Кэпсээ
Войти Регистрация

Олохпуттан кыратык кэпсиим дуу

Главная / Кэпсээ / Олохпуттан кыратык кэпсиим дуу

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
31.10.2024 08:50
54 0

Автор: эрэл 06.04.2014 (19:27)

Бастакы курска уорэнэ сылдьан уопсайга урдук курс уолаттара ыал буолан олороллорун олус диэн ымсыыра керер этим, мин эмиэ кинилэр курдук таптыыр кэргэммин кытары сиэттиспитинэн уерэхпэр барарбын харахпар ойуулаан керер этим. оннук ыал буолан уопсайга олорор табаарыьым кэргэнин кытта ессе о5о былаанныылларын кэпсиирин истэ истэ бэйэм огом хайдах буолуохтаагын мечтаайдыырым... Бэйэм наьаа огомсохпун, уулуссага ааьан эрэр оголор даже мичээрдээн пирибиэттэьэн ааьаллар этэ:) Ол эрээри харагым себулуу керер кыыьы уерэхпэр да уопсайбар да булбатагым. биирдэ арай убайым свадьбатыгар сылдьан кэрэчээн бэйэлээх наьаа нарын кыыс мичээрдии мичээрдии ункуулуу сылдьарын кердум;) хайдах эрэ кыыьы кытта бастакы тиийэн билсиспэт бэйэм (обычно кыргыттар бэйэлэрэ кэлэн билсиьээччилэр миигинниин), ол ункуулуу сылдьар кыыска тиийэн дьон быыьынан соруйан кэннибинэн хаампыта буолан кыыска кэтиллэ тустум:), кыыьым уоой диэбитигэр эргилинним, чугастан керен ессе долгуйдум, духитын сытын ылан туймаардым игин, уонна алгас диэн баран аккаары тормозтаан баран хааллым. ити киэьэ биьирэм буолла, айылгага шашлыктыы диэн буолла, мин барыстым ол кэтиллибит кыыьым эмиэ барыста, чэ хата онно баран билсиэм диэн уердум агай. шашлыкпытын сиэн, костер тула олорон гитарага ыллааьын буолла, дьон элбэгэ бэрт буолан кыыспын игин кере сатыыбын кестубэт, палаткага сытар тымныы ууну агала бардым, палатканы арыйбыппар ус кыыс олорор эбит, биирэ мин кэтиллибит кыыьым, гитарага оонньуу олорор этэ, того тахсыбаккыт диэбиппэр наьаа кумаардаах диэтэ, куолаьын истэн ваще уулла сыстым;) Ээ ди, мин эмиэ манна олорор эбиппин диэн баран олорунан кэбистим, киниттэн ураты икки кыыьы билэр этим, ол иьин олоро хааллым. онно олорон дьэ учугэйдик билсистибит. маарыын кэтиллибиппэр илиитин кыра тарбагын елербут уьу:) онуоха билэр кыргыттарым соруйан кэтиллибитэ буолуо диэн киьини кыбыьыннардылар. кыыьым аата Мира диэн эбит;) Онтон ыла чугастык билсэр буоллубут, кини эмиэ миигин кереет даганы себулээбит эбит. Номнуо уьус курс буоллум, Мирам дипломнайын сыла , миигиттэн икки сыл улахан этэ. биьиги урут мин мечтаайдыырым курдук бииргэ ыаллар курдук олорор этибит, иккиэн стипендиялаахпыт, выходнойбутугар улэлиибит. Биирдэ ужинныы олорон о5о туьунан кэпсэтэн бардыбыт, иккиэн наьаа оголонуохпутун багарар эбиппит, ол иннинэ ити туьунан олох кэпсэппэт этибит. чэ Мирам дипломнайын туттардагына ити мечтабытын оноруох буоллубут;)) ...Сайын буоллаа, Мирам уерэгин бутэрдээ, мин 3 курсу бутэрдим. арай куьун буолан Мирам улэ булан улэлиэгэр диэри кыра киьичээммит баарын биллэрбэт:( Онтон санааргаан Мирам миэхэ кыыьырара элбээбитэ, быраастарга сылдьан иккиэн кердеруех буоллубут.

Добавить комментарий