Кэпсээ
Войти Регистрация

Үс киһи

Главная / Кэпсээ / Үс киһи

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
31.10.2024 09:02
542 0

Автор: Алгыстаах_Сарыада 29.04.2014 (07:38)

Куосталаах Соппуруон ордоо5утэ биир дьикти тубэлтэ5э тубэьэн тураллар. Итиннэ майгынныыры быйыл нууччалыы хаьыакка биир суоппар кэпсээбитин суруйбуттарын аа5ан баран, «эмиэ ус киьи эбит дуу, ити аата туох эбитэ буолла?» диэн эмиэ кэпсээним биир геройун курдук дьиктиргээн турабын. Бээ, саас сааьынан кэпсээтэххэ, до5оттоор, дьэ маннык … …Кустуу кэлбиччэ киэьэрэн эрэ да буоллар, Соппуруоннаах Куоста кэлбит эбэлэриттэн балай эмэ хааман баран, биир кыра кырыы ойууру а5ыйахта атыллаат, Хомустаах куоллэригэр илим утээри тиэтэйэ-саарайа тыыларын диэки хаамыстылар. Бу эбэ барахсан балыгынан сайыны быьа от са5ана кинилэри аьатан абыраабыта, манна диэн эттэххэ, бу сир оччуттарын барыларын да5аны диэххэ соп. Кэнсиэрбэ5э тэннээх ас буолуо дуо, сорохтору ба5ас молоруччу уоппута. Дьэ, онон Соппуруоннаах эрдэттэн былааннанан, оностон а5ай кэлбиттэрэ. Тула кордоххо бу алааска олорбут дьон отохторун оннун сэмнэ5э, иннэйбит сэргэ, киьи унуохтаах халдьаайы манна дьон-сэргэ хаьан эрэ олорбуттарын туоьута буолан, тулаайахсыйа кубарыспыттар… -Соппуруон, бу кытайдар илим атыылаан абыраатылар дии санаабаккын дуо?- Куоста уруксээгиттэн илимнэрин хостуу-хостуу киьитин корон ылбыта. -Илимнэрэ ба5ас учугэй, бу тимирдэрин корон ыллахха. Сорох маллара ба5ас кунунэн алдьанар быьыылаах дии.

  • Сатабыллаах саьыл са5алаах буолла5а. Харчы буолла5а дии, харчы. Тургэнник алдьанна5ына, эмиэ атыылаьаргар тиийэ5ин. Бэл, дьахтар киэргэлин, этэрбэьин, онтон да арааьы утуктэ охсон, атыылыыллар буолбат дуо? Дьэ, барыны бары сатыыр, сурэхтээх омук диэтэ5ин. -Аны утуктэллэрин боппуттара, до5оор, сурэ бэрт дии. Хайдах сахалар оноьуктарын бэйэлэрин киэннэрин курдук бачаачайдаатахтарай? Чэ, эн, куолулуу олорбокко киирэн утэ о5ус, мин уубун оруом, бачча кэлбиччэ эбэбитин да аьатыахпыт, - Куоста хара хоруо буолбут кыра солуурча5ын уруксээгин быатыттан суорэн ылла, саппыкытын оьун тардынна. Иккиэн аргыстаьан эбэлэрин диэки хаамыстылар. Тыыларын корбутэ-истибитэ буолан баран, «син учугэй эбит, аны сайын кырааскалаан бо5орготон биэриэхпит» дэьистилэр. Куол кытыытыгар киллэрэн, Соппуруон аргыый сэрэнэ уктэнэн, тыытыгар туран эрэн эрдиитин ылан, кытыыттан анньынан кэбистэ. Куоста солуурун иьин от ургээн сууйбута буолла, иьигэр «туох кирэ буолбут уьуо…» диэн ботугураат, то5о суоккээтэ. Онтон уутун тобус-толору сомсон ылла, соро5ун ко5урэтэн чарылатаат, а5ыйах хаамыылаах оллоонун маьыгар ыйаан баран, уруккуттан бэлэм сытар маьын уурталаата. Сайын хаьааммыт туос хонхолойуттан тырыта тыытаат, испиискэ уотун та5айда. Кураанах мастаах кутаа5а уута ор коьуттэрбэккэ, сотору кытыытыттан са5алаан, улам-улам урун куугэннэнэн, оргуйан куобахтаан барда. Хара чэйиттэн холбоччу туппут ханас ытыьыгар кээмэйдээн, оргуйа турар уутугар бырахта. Санаа курдук тэптэрэ туьээт, таьааран сойута уурда. Киьитин кэтэьэ таарыйа табахтыы-табахтыы аьын-уэлун бэрийэн баран, тиэрэ туьэн «сис коннордо», устунан утуйбутун бэйэтэ да билиминэ хаалла. Айыл5а5а кэлбит дьон тугун ыксыахтарай, оссо илимнэрин корон киэьээни аьылыктарын булунуохтара. Соппуруона кэлэн: «Хайа, бу киьи да5аны, утуйа сытар дуу? Дьэ абыраммыт да киьигин, хараххын симиэн эрэ кэрэх, утуйан муннун хаьыныраабытынан бара5ын. Чэ, тур, аьыахха, маарынныттан сиьим уоьэ испэр хам сыьынна,»-диэн уьугуннарар санатын уутун быыьынан иьиттэ. «Утуйдум дуу, утуйбатым дуу, бу киьи бэлиэр кэлэ охсубут дуу. Чэ, аьыахха, чэйбит сойдо5о!»,- диэт ойон турда. -Бастаан, эбэбитин, отохпутун аьатыахха буолла5а дии,- Куоста тимир куруускалаах арыгыны уотугар кудээрис гына ыьаатын, биирдэ оро сандаарыс гынна.- Оок, эьэкээним уордэ! -Хайа, бу кээьэр чэйгиттэн, табаххыттан уонна бу арыылаах килиэпкиттэн эмиэ биэр эрэ, -диэн баран Куоста суол-суол бэлэмнии о5уста. -Оттон, а5алыый, итиннэ хамаандалыы олоруон дуо? Оттон сиэлин? Эмиэ умнубут! Миэхэ баар диэбэтэ5ин буоллар, а5аларым хаалла,- Соппуруон кэлэйбиттии тутунна. -Эн да укта сылдьыаххын. Мин ойум бааллан, умнан быьа сытыйбыппын. Чэ-чэ, эбэьээт сиэллээх буолуохтаах буолла5ай,-Куоста сапсыйан кэбистэ. Икки атастыылар: «Сибиэьэй салгынна сылдьар учугэйин, дьиэ5э туунугурэ сытар курдук буолуо дуо?»- дэьэ-дэьэ а5албыт ыьыктарыттан биир «Русская водка» диэн суруктаахтарын начаас улугэр «тугэ5ин кордулэр». Айахтара аьыллан арааьы бары ыаьахтаьа-ыаьахтаьа иккистэрин кураанахтыы охсубуттарын билбэккэ да хааллылар. Лаппа холуочуйа быьыытыйбыт дьон: «Ээ илими, нокоо, сарсын коруллуо, аны эбэ5э мээнэ киириллибэт»,-диэн «ойдоохтук дьаьаннылар». Эннэрин-миннэрин билсэр дьон быьыытынан, икки улахан саналаах дьон былдьасыьа-былдьасыьа сэьэргэьэн кыра онкучах алаас иьин киэьээни дьыбарга ылан кэбистилэр. «Чэ, туксу, барыахха!» диэн блок дьиэлээх алаастарыгар тонноору сээкэйдэрин хомуннулар, чэйдэрин тобо5ун Куоста со5оруйбут кутаатыгар кута-кута: «Мин куппатым, хаар-самыыр уута тустээ-ээ», -диэн холуочук куолаьынан энээриттэ, ордубут маьы тар5ата ыьаттаата, орпут уутун «сэрэххэ» диэн барытын иннэри кутта. Илийбит хара хоруо мас умуллаары аатыгар буруолаан тыккыраабытын ата5ынан тэпсэн биэрдэ. -Эс, до5оор, бэйэн уу кутан баран тугу артыыстыыгын? – Соппуруон андаатар сэмнэ5э бэргэьэтин кэтэ5эр анньынан баран, холуочугар тэптэрэн, кордьуоьу корбуттуу, кулэн ыгыьынна.
  • Аргыый, кулумэ диибин буолбат дуо, уот иччитэ истэн, оьургэниэ… Солуута суох буолума эрэ, эн! Ити а5ам о5онньор былыр этэрин утуктэбин. Былыргылар барыны бары билэллэр. Оттон эн хайдах гынары чуолкай билэ5ин дуо? Эппиэттэьэ5ин дуо? -Соппуруон хардары хадьардаьыах курдук гынан иьэн, сапсыйан баран, уруксээгин быатын бэрт эрэйинэн ынчыктаьан кэтэн баран, киьитин диэки хайыьан да корбокко, тоннор аартыктарын диэки алтахтыы турда. Куоста сээкэйин хомунан балай эмэ мучумааннаьан баран, киьитин батыьан батыаккалаата. Онтон то5о эрэ кэннин хайыьан кордо. Дьэ, до5оор, корбото5ун корон соьуйан, тиэрэ кэлэн туспэтэ5эр баьыыба! Хантан да кэлбиттэрэ биллибэт ус хара кулук киьи, балай эмэ тэйиччи да буоллар, суол устун кинилэри батыьан иьэллэр эбит! Ой ылан, киьитин ситээри суурбутэ буолан сарымтахтанна, ыксаабыт ыгылыйбыт куолаьынан уогулуу былаан: «Нохоо, куут! Атын дьон батыстылар быьыылаах!»-диэбит санатын, бэл, бэйэтэ атынырыы иьиттэ. Соппуруона киьи эрэ буоллар ити санаттан тохтуу биэрдэ, кэннин хайыста, корбутун итэ5эйбэтэ: туу сурэ5ин курдук мулгугур сарыннаах ус хара кулуктэр кинилэри батыьан, кинилэр курдук айан суолун туппуттар! Ортоку киьилэрэ ордук улаатан барыйан костор, биирдэрэ орто, биирдэрэ намыьах кыра унуохтаах, кулук курдук дьон! Бу иэдээни! Хайдах эрэ кинилэртэн киьи куйахатын умуру тардар, дьулаан куттал суоьуур курдуга... Куосталаах, бэл, холуочуктара ааьарга дылы гынна, туора-маары баадыйалаан, дьиэлэрэ баар сирдэрин диэки унуох-унуохтара халыр босхо баран, суурэр-хаамар икки ардынан туьунэн кэбистилэр. Санааларыгар, субу ситэ баттаан ылыах курдуктар, ийэ-хара колоьуннэрэ сирэйдэригэр сарт тустэ, тымныы суурээн иэннэрин кэдэннэттэ.

Добавить комментарий