Кэпсээ
Войти Регистрация

Биир дьиэҕэ баара

Главная / Кэпсээ / Биир дьиэҕэ баара

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
31.10.2024 09:21
2k 0

An image to describe postАвтор: мурашки по коже 26.06.2014 (02:34)

Биир күн ийэбинээн улуус киинигэр наада5а киирдибит. Арааската ыраа5ынан аймахтарбытыгар түстүбүт этэ биир хонукка. Оччолорго мин оскуола5а киирэ илик быычыкаайык о5о буолан, сүнньүнэн диэн эттэххэ кимнээх дьиэлэригэр хонуктаан ааспыппытын, хайдах сылдьыбыппын букатын өйдөбөппүн, арай биир түгэн оспот сиикэй баас курдук билигин да сиспэр анньа сылдьар эбээт, өйбөр кытаанахтык ыпсарыллан хатаммыт эбит. Быһыыта утуйар кэм кэлэн миэхэ ийэбэр тус туһунан хосторго орон бэлэмнээтилэр. Ийэм улахан дьоннору кытта эбитэ ду, мин о5олору кытта. Билигин санаатахпына походнай диэн тэриллэригэр утуйан турбуттаах эбиппин. матраас оннугар баата суор5ан тэлгэтэлэр икки кытыгырас ньэлтэспит кыргыттар, үрдүгэр ах ма5ан бырастыынаны саба бырахтылар. Миигин ыйыта барбакка таңаспын ньылбы тардан кэбистилэр, сытыардылар, оллур-боллур да буоллар мин утарсыбакка утуйааччы буоллум. Арай түүн туох эрэ тыаһыттан уһуктан кэллим дьикти дьиибэ таыстан дьиэ киирэр аанын диэки аартыкка туох эрэ хаачыргыыр да хаачыргыр,ким да истибэт бэйэккэтэ, барыларын муруннарын тыаһа бай5алга. Балайда куттана куттана иһиллии сыттым, уһугар тулуйбакка суор5аммынан бүрүнэн кэбистим тугум да быкпат гына. Били тыас улам кыччаатар кыччаата онтон олох да сүтэн хаалла мин куттаммытым ааспат суор5аммын туох да иһин арыйбаппын. Син балачча кэтэстим быһыыта туох да тыаһаабат, тиритэн көлөһүн аллан тыын ылаарыбын суор5аммын кыратык аппаттым. Араай ол аппаппытым туох эрэ сыбыс гынан ааспата дуо, мин титиристиэхпэр диэри куттанным ол да буоллар биир харахпын араарбакка көрө сытабын. Утаакы буолбата ол сатана түннүк диэки баар буола түстэ, үчүгэйдик онно көрдүм хата - көтө уста сылдьар курдук ба5айы эбит. Быыһынан уоран көрө сыттахпына сэттэбин дьэ этиттэ эбээт мин диэки эргиллиннэ да утары уунан барбата дуо. Оо сор мин хаһытаары гынным да кутталбыттан сатаан куолас тахсыбата ыксаан быыспын төттөрү бүөлэнним, ыбылы бүрүннүм таас курдук ыгыллан баран нэһиилэ сыттым. Кулгаахтарым чуордаммыта сүрдээх барытын ба5арбатарбын да иһиллии сытабын, ба5айы төттөрү-таары тиэстибэтэ дуо суугунан олорор, ол аайы мин быычык сүрэ5им тэбэрэ доб- добдургас. Ол сытан саныыбын хайдах эрэ гынан ийэбэр барбыт киһи диэн, сиирэ бу кэллэ диибин, ытамньыйдым игиннээтим. Чааһы быһа харахпыттан муруммуттан уу баһа баһа сыттым. Онтон күүс ылан суор5аммын өссө төгүл сэгэтэн көрөргө сананным. Арыйбытыым до5ооор ол сатанабыт күп күөх сырайа бу марбайан турар,эбиитин киһи сүрэ5ин хайытыах уотунан ча5аалыйбыт харахтара уун утары тобулу көрбүттэр, иэдэстэрэ ньалбайан түһэн үөрбүт курдуктар. Мин оччо айыылаа5ы көрөн баран олруом дуо хаһытаабытынан суор5аммын ба5айы диэки кыраттым походнайтан ыстанан бистим уонна ийэм диэки ойо турдум. Ийэбин тиийэн ытыы-ытыы уһугуннардым, ийэм барахсан: сыллыай туох буоллун диэн ыйытта, мин уура кэпсээтим, ийэм өрө тыынна кууһан ылла сүүспүттэн сыллаан ылла төһөөбүтүн буолуо диэхтээтэ, уонна аттыгар ороңңо кэккилэһиннэрдэ. Сотору со5ус биир кыыс уутун быһыгар ийэбиттэн кэлэн арааскыта мин туспунан ыйытта быһылаах, көрдөхпүнэ хосторун уоттарын умаппыттар игин этэ. Кэлин улаатан баран ол дьиэ туохтаа5ын билбит истибит ыйыталаспыт суох.

Добавить комментарий