Кэпсээ
Войти Регистрация

Сөргүтүллүбүт ситим

Главная / Кэпсээ / Сөргүтүллүбүт ситим

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
31.10.2024 10:14
7k 0

An image to describe postАвтор: ким эрэ 02.06.2014 (08:39)

Мин остановкаҕа олордохпуна биир итирик сааһырбыт чүөчэ кэлэн аттыбар олордо, чаас хас буолбутун ыйытар, ханнык номердаах автобус ханна тиийэрин ыйытар, мин сөбүлээбэтэхпин биллэрэн миэстэбин уларыттым, онуоха чүөчэм өрө тыынна уонна номнуо саҥата суох олордо онтон этэр: - Мин эмиэ эһиги курдук эдэр эрчимнээх этим, билигин бу буолан олорорбун көрүмэ. - диир. Мин аахайбатым онтон этэр: - Миигин кытта олорон кэпсэт ама да аргыһытым иһин өйүм санаам ыраас мин кэпсээммин, кэмсиниибин эдэр ыччакка тириэрдэр кыахтааххын дуо? Киһи куһаҕаҥҥа түргэнник үөрэнэр үчүгэйи ылынар ахсааннаах - диир. Санаабар аһынным да саҥарбатым. Автобуһум кэлэн иһэрин көрөн турдум чүөчэм эмиэ турда тугу эрэ ботугуруур. Автобуска киирэн олорон санаа бөҕөҕө ыллардым чахчы кэпсиирин истэн эдэр ыччат, үүнэр көлүөнэ истиитигэр, көрүүтүгэр таһаарбыт киһи диэн. Иккис тохтобулга чүөчэм түстэ ону сырсан мин эмиэ түстүм. Кэнниттэн сырсан ситэн ылан кэпсии сатаабыккын истибэтэхпэр кыыһырыма кафеҕа киирэн кэпсэтиэх диэбиппэр чүөчэм сирэйэ хараҕа сырдыы түстэ уонна этэр мин дьиэбэр киириэх дьиэм баҕас ыраас, соҕотохпун диэтэ уонна икки этээстээх мас дьиэлэри ыйда хайыахпыный кэпсэтиини саҕалаабыт киһи барыстым подъезка киирбиппит кир хох аан диэн суох түннүгү этэ да барыллыбат. - Дьэ бу курдук олоробут, бу дьиэҕэ испэт ыал диэн суох, бары иһэллэр эрээри чуумпулар хаһан эмит айдаарсабыт, чэ киир - диэт дьиэҕэ киирэн хаалла, мин туруом дуо кэнниттэн киирдим дьиэ иһэ аргы сытынан туолбут мэлдьи да маннык буолуо эрээри чахчы ыраас барыта уурбут туппут курдук аргыһыттар дьиэлэригэр маарыннаабат остуолга ыҥыран чэй кутта бичиэнньэ уурда уонна өр саҥата суох олоро түһэн баран: - Эн аргы испэт инигин? - диэтэ уонна бэйэтигэр саҥа ылан кэлбит аргытын кутунна. Дьэ уонна кэпсээнин аргыый аҕайдык кэпсээн барда:

  • Мин сааһым 45 (көрүҥүнэн 60 саастаах курдук), биһиги бииргэ төрөөбүттэр иккибит миигиттэн биэс сыл кыра бырааттаахпын ханна баара эбитэ буолла көрсүбэтэхпит ыраатта бүтэһигин көрсөрбөр кэргэннэнэн оҕолонон олорор эбит этэ билигин ырааттахтара, чэ ол курдук оскуоланы кыһыл көмүһүнэн бүтэрэн соҕуруу үөрэнэ барбытым соҕуруу климаты сөбүлээбэккэ ыалдьан икки ыйынан төҥнөн кэлбитим уонна манна сыл кэриҥэ дьоммор олорон баран Дьокуускайга үөрэнэ киирбитим. Киирбит сылбар биир уоллуун билсэн ыал буолбуппут (түргэммит бэрт) дьонум бу дьиэни атыылаһан биэрбиттэрэ уолламмыппыт оҕоломмутум кэннэ киһим туора маара хаамара элбээн иһэр игин буолта өр тулуйбакка үүрбүтүм соҕотоҕун да оҕобун улаатыннарыам диэбитим баара. Үүрүллүбүт сайыныгар кэлэн бырастыы көрдөһөн киирбитэ уонна үлэлээн аргыны отой испэт буола көнөн иһэн эмискэ суох буолбута чугас киһим суох буолбутун тулуйумуна аргыннан саататынар буолтум дьүөгэлэр доҕоттор да элбээбиттэрэ оҕом барахсаны дьонум көрө истэ миэхэ көмөлөһөбүт диэн ааттаан ылбыттара онно отой көҥүл баран биир ый тохтообокко аргылаан гэрээчкэлээн балыаһаҕа киирбитим онно дьонум истэн төһөлөөх хомойбуттара буолуой кэлэ сылдьыбыттара ийэм ытаан айманан миигин дойдубар илдьэ тахсан олордубуттара онно сыл кэриҥэ олорон баран куоракка киирбитим үлэлии диэн ааттаан киоскаҕа атыыһыт үлэтин булан үлэлии киирбитим онно олорон кыралаан атыылыыр пиибэбиттэн иһэр идэлэммитим итэҕэстэнэн үүрүллүбүтүм хамнаспын биэрбэтэхтэрэ иэспэр туппуттара уонна офистарыгар уборщицаннан ылбыттара үс ыйга босхо үлэлииргэ босхо үлэлиир буолан да диэн иэспин төлөөрү буоллаҕа сүгүн үс ый үлэлээбэтэҕим. Оннук курдук эмиэ урукку былыргы доҕотторбун атастарбын көрсөн ый ыһыаҕын ыһан күннээн күөнэхтээн сылдьан арай биир оннук аргылааһын кэнниттэн сарсыарда уһуктубутум хаан сиин бөҕө туох буоллахтарай диэн хостон тахсыбытым биир доҕорум муостаҕа сытар хаан бөҕө мин кутталбыттан таһырдьа ыстанан тахсан дьону ыҥыртаатым киһим тыыннаах, "скорай" ыҥыран балыаһаҕа илтилэр мин дьиэбин сууйан сотон абырахтана олордохпуна милициялар көтөн түстүлэр "киһини өлөрөн баран өссө аргылыы олороҕун" диэн баран илдьэ бардылар ким миигин көмүскүөй, ирдэһиэй оннук икки сыл олорон тахсыбытым дьоннорум утуу субуу суох буолбуттара оҕобун детдомҥа ылбыттар этэ онно дьэ мин туох буолан кэбилэнэ сылдьарбын биирдэ өйдөөбүтүм, өйдөөн да диэн хойутаатаҕым ди иннэ гынан оҕобун бүтэһигин үс саастааҕар көрбүтүм уонна көрө иликпин оҕобун санаатахпына сүрэҕим хаанынан ытыыр билигин биирдэ көрсөрүм буоллар миигин өйдүө дуо? Бырастыы гыныа дуо? (чочумча саҥата суох олорор хараҕын уутун соттор) Оҕом бырастыы гыныа этэ олох испэт эрдэхпинэ кэргэмминээн оҕобунаан хаартыскаҕа түһэн бөҕө биэрэрбит билигин көрдөрүөм (хоһуттан баран альбомун аҕалла уонна ытаан барда, уоскуйа түһэн баран) биһиги дьолбутун барытын бу хаартыскаларга иҥэрэн кэбиспиппит биһиги хаһан эрэ дьоллоохпутун дакаастыыр бу баар (диэт арыйа баттаата доҕоор мин билэр хаартыскам сылдьар тута "бу кимий?" диэн ыйыта охсубуппун кулгааҕым эрэ истэн хаалла) тоҕо соһуйаҕын бу баар күн сиригэр суоссоҕотох аанньалым мин уолум (диэтин кытта мин тулуйбатым ытаан бардым тоҕо буолуой? Ити мин кэргэним таптыыр киһим. Ол курдук мин А. (диэм чэ) түөрт сыллааҕыта үөрэнэ сылдьан билсибиппит. Көнө уһун уҥуохтаах кып кырасыабай уолу мин көрөөт таптаабытым, кини тыаттан сылдьара ииппит төрөппүттэрэ олус үчүгэй сыһыаннаахтар төрөппүт оҕолорун курдук сыһыаннаһаллара, төрөппүт ийэтин аҕатын булуон, көрсүөн баҕарар, биһиги уол оҕолоохпут билигин икки саастаах, бу хаартыска бэйэтигэр баар дьиҥнээх ийэтэ аҕата буоларын бэркэ билэр ииппит дьоно ийэҕин аҕаҕын була сатаа бииргэ төрөөбүттэрдээҕиҥ буолуо дииллэр эбит этэ, миигин көрөн соһуйда ахан тоҕо ытаатыҥ диэн онуоха мин тугу да кэпсээбэтим чэй кутан биэрдэ арыый уоскуйда уонна) баҕар аһынан ытыырыҥ буолуо эдэр оҕоҕун олоҕун өссө да иннигэр баар, олоххун бэйэҥ оҥостоҕун. - диэн кэпсээнин түмүктээбитэ мин дьиэбэр төҥнөрбөр толкуй бөҕөҕө түспүтүм хайдах гынабын туох диибин чыычааҕым санаата түһүө кэпсээбэппин дии сананан баран туох баарынан киэһэ барытын кэпсээн биэрбитим чочумча саҥата суох сыппыта уонна сарсын маҕаһыынтан кэһии ылан оҕобутун илдьэ барыахпыт итирик буоллун өйдөөх буоллун төрөппүи ийэм буоллаҕа диэн миигин кууһан ылбыта үөрбүтэ долгуйбута тута көстөрө. Сарсыныгар үлэтиттэн эрдэ кэлбитэ подарок уонна сибэкки ылбыт этэ хомуна охсон барбыппыт мин суолу ыйан биэрбитим өр буолбакка тиийбиппит хата баар эбит ааны тоҥсуйдум тута арыйда хата өйдөөх эбит үөрэ көтө көрүстэ мин дьоммун билиһиннэрдим онтон күн сирин көрдөрбүт суоссоҕотох аанньалыҥ бу турар диэбиппэр барахсаттарым өр да өр бэйэ бэйэлэрин көрөн турдулар хайалара да тугу да саҥарбат мин оҕобун көтөҕөн кухняҕа аастым дьонум ытаһан соҥоһон сыллаһан уураһан баран дьолломмут сирэйдээх кухняҕа киирдилэр уонна сиэнин көтөҕөн өр да кууһан олорон сыллаата онтон чэй бэлэмнээтибит чэйдээтибит ити күнтэн ыла биһиги Ийэбит аргы диэни букатын испэт буола сылдьар сиэнин көрсөн абырыыр өссө иккис сиэнин кэтэһэ сылдьар толору дьоллоох эбээ буолан сылдьар. Онон үс эбээлэнэн, икки эһээлэнэн толору ыал буолан олоробут.

An image to describe изображение imagen3 изображение imagen3

P.S. Дьоннорбут билсэн билигин эн мин дэһэн өссө эбээтит быраатын булбуппут үс оҕолоох сэнэх ыаллар эбит.

Добавить комментарий