Кэпсээ
Войти Регистрация

Сахалар арыгыннан эстэбит дииллэр да...

Главная / Кэпсээ / Сахалар арыгыннан эстэбит дииллэр да...

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
31.10.2024 12:31
3k 0

An image to describe postҮс дуу түөрт дуу сыллааҕыта 15-с оптуобуһунан борисовка диэкки айаннаан истим. Дьон толору, иннибэр икки холуочук туруктаах уолаттар олороллор. 17 оскуола тохтобулуттан биир оҕонньор начальнай кылааска үөрэнэр сиэнин кытары нууччалыы кэпсэтэ-кэпсэтэ киирэн кэлэн мин ойоҕоспор лаҕыччы олорунан кэбистэ. Икки холуочук уолаттар хайдах курдук ааспыт субуота5а арыгылаабыттарын куоталаһа-куоталаһа кэпсээн бөҕө, маатыры-куутуру... Оҕонньор тулуйа сатаан баран уолаттары сэмэлээн барда:-"Сахалар арыгылыыбыт ол иьин эстэбит, эһиги акаарылар..." дии-дии студеннары, аныгы оҕолору, миигин эмиэ таарыйда. Ону мин хантан төбөбөр оннук тыллар киирбиттэрин бэйэм да сөхтүм(мин бэйэм аҕыйах саҥалаах-иҥэлээх киһибин): -Кырдьаҕас, эн этэрин сөп гынан баран, сахалары эн бэйэҥ бэйэҕинэн суох оҥортуу сылдьаҕын. Биһиги студеннар төһө итирбиппитин иһин сахалыы билэбит, төьө да итирэ сыппыпытын иһин сахаларбыт. Оттон эн сиэнин арыгылыа-табахтыа суоҕа да буоллар сахалыы билбэт. Төрөөбүт тылын кэлин да уөрэтэрэ саарбах. Дьэ кырдаҕас эт, ким сахалары суох оҥоро сылдьарый?"
Оҕонньорум тугу да саҥарбата, саҥата суох тахсан бараахтаабыта.
Кэлэйбитэ буолуо...
Кимтэн кэлэйбитэ биллибэт...

Добавить комментарий