11 ноября 2013дип
хос хос аахтым да сатан өйдөөбөтүм
ол аата Александра үс кэргэннээх дуо? кыыһа Антон озото буоллазына Антону тозо кэргэнэ диэн суруйбаккын?
11 ноября 201312345
......
Висса Александар кэргэнэ буолбатах, Антон 1-кы кэргэнэ, Мэхээс 2 кэргэнэ))
11 ноября 2013дип
ол аата Мэхээстэн озото суох эбит
Антон арахсыбыт дуу өлбүт дуу?
11 ноября 201312345
.....
Антон Александраттан арахсан баран Алданна баран уйэтин монообут. Иккис о5онньоро Мэхээс сурдээх эйэ5эс ки4и у4у, ол гынан баран киниттэн о5ото суох, эрдэ о4олго тубэ4эн суох буолаахтаабыт. Толкуйдаан кердееххе эр дьон Александралыын ер буолбаттар бары хайдах эрэ буолбуттар ду диэх санаам кэлэр. Били "Экстрасенстарга" черная вдова диэн термины туттааччылар ди.
Наһаа учугэй этэ... Бу харахпар баардыы кестеллер о5о саа4ым до5отторо, а5ам, ийэм...Оскуолам.. Биир утуэ сарсыарда Александра дьиэтиттэн тахсан, оттор ма4ын дьиэтигэр киллэрэн эрэрэ кестер. Та4ырдьа сур тымныы тыаллаах, туннук ненуэ олорон эмээхсиммин а4ына керебун. Эдэр саа4ыгар биир эдэркээн учугэй уоллуун билсибитэ у4у, онтукайттан биир суос соготох уоллаах, иккис кэргэниттэн кыыстаах. Дьыл5а диэн сорох ки4ихэ ыараханнык бэриллэр эбит. Кэргэнэ Мэхээс эдэр саа4ыгар суох буолбута. Онон Александра со5отох ийэ аатын ылан олорбута ыыра ыраатта. Билигин, бука санаатахха, 80 саа4а буолла буолуо... Улахан эрэйинэн да буоллар уолллаах, кыы4ын ки4и тэнинэн улаатынартаата. Кыыс дьининэн сирэйинэн ис киирбэх керуннээх, ол эрэн дэриэбинэ дьоно кинини акаары кыыс диэн ааттыыллар. Барахсан оскуолоага кыайан уэрэммэтэх буруйугар, уйэтин саа4ын тухары аат суктэ5э. Улахан уол да бэрээдэгэ мелте5унэн сугун уэрэммэтэ. Балта Люся хата ол сыл кэргэн та5ыста, кэлии ки4иэхэ.Ийэтэ барахсан те4е уэрбутэй. Кердеххе на4аа учугэйдик олороллор этэ. Олоруохтар эбитэ буолуо ессе да5аны биир кун ол куса5ан бы4ылаан буолбата5а буоллар. Люся бу сарсыарда кэргэнэ кэлиэхтээх ыраах улэттэн, оччого кинилэр киинэгэ бараллар. Кыра уолчаан киинэ сугун кердеруэ суога, чэ уонна утуйа хаалар диэн бы4аарынна. Хара сарсыардаттан дьиэтин-уотун хомуйда, киэ4элик о4о5ун отунна. Туун дьиэ тымныйыа диэн ма4ын эрдэ бэлэмнээтэ. Максимчык на4аа минньигэс уолчаан... Быйыл ус саа4ын туолла. Кини ийэлээх, а5ата баралларыгар утуйа хаалла.
Киэ4э 10 чаас са5ана, дьиэ и4э уу чуумпу арай оттуллубут о4ох тыа4а биир кэп тап тачыгырас, ону кытта кыракый ки4и муннун тыа4а. Эмискэ о4ох и4иттэн кул саккыраан тустэ, иннигэр сытар мас ер буолбакка умайан бучугураан та5ыста. Дьиэ и4э хара буруонан туолла. Максимчык у4уктан оронугар олордо. Тулатын керен куттанна. Ийэтин, а5атын ынырда, ытаан сынсырыннаата. Дьиэтин тула суурэн, аанын булла да5аны били ба5айы ийэтэ аанын хатаан барбыт. Уол отой ыксаата, буруоттан тумнастар буолан барда. Барахсан барар сирэ ба5ана уутэ буолла, кэлэр сирэ кэлии уутэ буолла. Хо4угар суурэн киирэн сор5анынан бурунэн баран орон аннын былдьаста... Бу бириэмэ5э дьон бары киэ4ээнни киинэ5э. Онон аттынаа5ы дьон дьиэ умайан эрэрин ким да эрдэ кербете. Кулууп и4иттэн биир о5онньор табахтыы тахсан баран ыраах дьиэ уотунан кытыаста турарын керен, бар дьону аймаан ким биэдэрэ тутурдаах ким лаппаакы тутурдаах дьиэ диэкки сырыстылар, ба4аарынай массыына кэлэн тугу да ту4алаабатылар, дьиэ дьардьамата туран хаалла. Александра ытыы-ытыы умайан буппут дьиэ и4ин синийбэхтиир, кыракый сиэнин кердуур, мустубут дьон уоскутан кердулэр да ту4а тахсыбат.
Сарсыарданан дэриэбин5э бас-кес дьон кэллилэр. Дьиэ тула дьон а5ыйаабата. Люся сиргэ мах баран, умайбыт дьиэтин инннигэр олорор, кэргэнэ сур тургэнник хаамыталыыр, и4игэр тугу эрэ ботугуруур. Александра санаатыгар сиэнэ бу суурэн кэлиэх курдук, тулатын кербехтеете. Мин а5ам дьиэ и4ин киирэн керде, ер буолла онтон дьону ыныртаата. Уолчааны, кып -кыракый ки4ичээни умайбыт суор5ан и4игэр хам сыстыар дылы умайбытын булан ылбыттар. Миигин а5ам илдьэ сылдьыбыта ол кун киинэгэ. Онон сырса сылдьааччы буолбутум. Дьон ытыырын-сонуурун онно сана кербутум, на4аа ыарахан этэ. А5ыйах хонугунан кырачааны кистээбиттэрэ. Александра кыы4ын саататартан соло булбат буолбута, дьон бары ку4а5аннык санарара. Ону тулуйбакка кутуэт арахсан баран хаалла. Эмээхсин улахан ыар санаа5а ылларда. Уола кулугээннээн дьону сугун сырытыннарбат, кыы4а аны маннык хаалыыа турда5а. Дьиэ5э ас а5алааччы кини эрэ. Олус сылайда да буоллар кинини ким ейуэй, суос соготох.
Александра кутуэтун керде4ен-аатта4ан, кыы4ым отой ку4а5ан буолан эрэр диэн ыксаан илдьэ кэлбитэ. Эмиэ учугэйдик олорон испиттэрэ. Ус кыыс о5оломмуттара. Аны ол ки4ибит и4эр а5ай буолбут этэ. Онон соторутаа5ыта ара5ыстылар. Ол да буоллар Александра сургэтэ кете5уллэн сылдьар, сиэннэрин тапталларыгар угуттанан со5отохсуйуу диэни билбэт. Люся куса5ан ийэ. О5олоругар адьа4ын наадыйбат. Атын ки4илиин булсан, туспа олорор. Кыргыттар на4аа тургэнник улаатар курдуктар. Кырачаан кыысчаан 3 саа4а буолбут, укчу били уол ого курдук. Ол сиэнин Александра ордук таптыыра кестер. Оннук олороллор, Александра кып-кыракый пенсиятыгар. Уола дьиикэй аргы эрэ харчытын кердеен сордуур идэлээх. Дьиэ5ин уоттуоом, сиэннэрин тыыннарын и4иллиэм диэн тыллаан, харчытын хаайан ылар. Кырачааннары керен ки4и а4ынар эрэ. Танас сап диэн дьаабы.
Александра бу и4иттэ5инэ уола хайа эрэ кыы4ы хаайбыт, хайа эрэ оскуола о5отун сордообут сурахтара элбээн бардылар. Хайдах гыныай. Чэ сыл-хонук син аа4ан и4эр курдук, оннук олоххо уэрэнэн да барда, барытын буолуохтаа5ын курдук ылынар. Сарсыарда туран килиэбигэр барар, улахан кыы4ын ааара оскуола5а дылы атаарар идэлээх, кырачааннары дьон кеметунэн детсадтаатылар. Киэ4эли барыларын хомуйтаан, дьиэтин отунна ас тардан оголорунаан чэйдээн эрдэхтэринэ, та4ырдьа ыт урэрэ и4илиннэ эмээхсин "Оо дьэ сор уола" диэбитинэн аан диэкки чуга4аата, уотун сапта, и4иллээн турда. Ки4и чуга4аан кэлэн ааны дибдиргэттэ.
Улахан сиэн кыыс убайын ку4а5ан майгытын билэр буолан, хос диэкки хор5ос гынна. Биирдэ убайа кыыс со5отогор кэлэн, хаайбыт, ол гынан баран кыыс халты харбаттаран куотан турбуттаах. Ер со5ус буолан баран, ки4и этэ кууруэхтук ха4ыытаан халларытта. "Дьэ эмээхсин, бааргын билэбин, ааннын а4ыан суо5а да, туннуккуy суралыам". Александра тыыммат да5аны. Тура ту4эн баран, атах тыа4а ыраата турда. Улахан кыыс Евелина, ити адьарай убайа ханна эбит тубэ4эн, хаайыыга барарыгар на4аа багарар. Итинник хас кун аайы. Эбээлэрэ отой кыайымаары, оскуола5а остуора4ынан барар буолла.Ангелина Васильевна, Александра кы4ал5атын ейдеен, о5олорун оскуолага босхо, учугэйдик а4аттарара, атын да учууталлар а4ынан куруук кэ4ии дуомун биэрэллэрэ. Биир кун Евелина дьиэтигэр эмиэ со5отох хаалла. Киэ4э алта чаас са5ана ас астаата уонна себулуур передачатын кере олордо5уна, дьиэ5э убайа кетен тустэ. Аргы ыар сыта дьиэ и4ин ылан кэбистэ. Евелина сап-салыбырас буолла.
"Дьэ хатыай! Бугун хайдах буолабыт? Ааспыкка ситиспэтэхпин сити4э кэллим"-диэн, улахан ба5айы куола4ынан ха4ыытыыр тэнэ санарда. Уун утары хааман кэлэн кыыс батта5ар хатана тустэ да муоста5а быра5ан, соспутунан барда. Ева часкыйа-часкыйа убайын илиититтэн тарды4а сатыы сырытта. Ити бириэм5э орто кыыс дьиэтигэр киирдэ. Эдьиийигэр суурэн тиийэн кемелеспутэ буолаахтата. Былатыан ол эрэйдээ5и илиититтэн эрийэ тутан садьыйан кэбистэ, онуох Ева босхолоно ту4ээт аан диэки суурдэ. Куттаммыта бэрдиттэн атах балай, хайа диэки бараын билиминэ суурэн истэ. Хата, утары Александра тиийэн кэлэн, кыы4ы уоскутта. "Хайа тойуом, хайдах буоллун"-дии-дии иирбит тэнэ часкыйан ытыыр о5отун уоскута сатыы-сатыы, кууһан туран ыйытта. Ева туох буолбутун кэпсээтэ. Александра дьигис гына тустэ, этин саа4а арыллан дьар гынна. Еваны аттынаа5ы ыалга утаараат, дьиэтин диэкки туох баар куу4унэн ту4уннэ. Дьиэ5э кетен туспутэ, Былатыан суох. Арай, хос и4игэр орто кыыс утуйа сытар курдук токуллубут. Александра суурэн тиийэн сиэнин кууспахтаата, туох буолбутун тута ейдеете. "Адьарай, бэйэн сугун сылдьымына5ан балтыларын дуомун олохторун алдьаттаххыан!!! Мантан иннэ дьиэ и4игэр уктэнэн кер эрээ!!!" диэн ере у4уутуу-у4уутуу часкыйда. Уоскуйан баран оскуорайын ынырда.
Анжела ити тугэн кэнниттэн саната суох буолан хаалбыта. Убайын унсубэтэхтэрэ, дьон санатыгар киирэн кыысчааным кулуугэ барыа диэн кутталтан, чэ уонна Александра уолун да ологун алдьатыан ба5арбата5а. Кини уола инник буолбутугар бйэтин ордук буруйданара. Бастакы тапталы Виссариону на4аа да куускэ таптыыра.Армияга барыан иннинэ чугастыы буолбуттара. Александра кэтэ4иэх буолан хаалбыта. Кэлин сибээстэрин бы4ан кээспиттэрэ. Того эбитэ буолла? Киниттэн о4о5остоох хаалан хаалбыта. Онтукайын эпэтэх буруйугар билиннээни дири ыаллыы турар дэриэбинэ5э ыал буолан олорор Виссарионугар биирдэ да кестубэтэ5э-биллибэтэ5э.
Виссарион оройуон и4игэр биллэр баай ки4и, убаастанар меценат, суол-иис тутуутун тойоно. Билигин биллэ кырдьыбыт. Кини уоллаа5ын ту4унан дьон тылыттан истэн отой кэлиин билбитэ. Уэруутэ у4уга суо5а. Александратын иннигэр буруйдаа5ын билинэрэ. Кини кэлээт, кэтэспит Александратыгар тиийбэккэ, куоракка атын дьахтарга иирэн онно тутатына ыал буолан, хойутуу бу дэриэбинэ5э ке4ен кэлэн олохсуйбуттара.
Биир кун Виссарион сарсыарда улэтин диэкки хааман истэ5инэ билэр чугас табаары4а чуга4аан кэллэ. Кырылаах-дьэбэлээх ба5айы харпа5ынан кере-кере илии уунан дорооболосто. -Хайа нойоон, дорообото тут! -Дорообо, хайа туох дьикти дьиибэлээх хараххынан одууластын, эмиэ уэнун баппака, энин араас буоллун. -Дьэ нохоо сылдьардаах уол эбиккин. Мин биири и4иттим-дии дии ыманнаата. -Чэ ол туоххунуй, кэпсиир буоллаххына кэпсээн ис, ыксаатым-диэтэ Виссарион.
Ити тыллары истэн Виссарион ис-и4иттэн уэрэ санаата. Урут да истэр этэ гынан баран улаханнык итэ5эйбэтэ. Ол гынан баран ону кытта курус санаа кетен туспутэ. Ама, билигин кэлэ эргэ тапталы силис-мутук быы4ыттан ороон, былыргы ыарыылары иэ5эннэттэ5инэ сатаныа суох курдук. Шурам хара5ын хайдах утары керуэмуй, эрдэ эппитэ буоллар хайдах буолуом этэй диэн и4игэр эмиэ да шуратын ме5уттэ, эмиэ да бэйэтин сэмэлэн хонно. Сарсыарда кун тахса илигинэ, Виссарион айанна турунна. Кини бугун адьас тупсубут, тана4ын-сабын бэриммит. Кэргэнэ ыйыппытын атынынан аралдьытан баран тахсан барда. Ер со5ус айаннаан тиийэн кэллэ. Чочумча турбахтыы ту4эн баран, ааны аргыый сэрнэн тонсуйда. Александра бу бириэмэ5э дьиэтин-уотун бэрэдэктии, ас тарда сылдьар кэмэ этэ. Ааны тонсуйбуттарыгар.
"Киммит кэллэ5эй?" - дии дии бата5ын оностуммахтаата, илиитин сотунна уонна аанын арыйда. Александра аан ненуэ турар ки4ини кереет, теттеру сабан кэбистэ уонна эргиллэн туран сурэ5ин туттумахтаата, уэруэн да хомойуон да билбэккэ турда. Виссарион аан хатаммата5ын бэрт сэрэнэн аста, дьиэ5э киирэн кэллэ:
Ити керсу4уу кэнниттэн Виссарион ейуттэн Александрата олох тахсыбат буолла, аны долгуйара диэн уолун кытта хайдах керсу4уэн туох диэн кэпсэтэрин и4игэр куруук толкуйдуу сылдьар буолла. Кини бэйэтин кэргэнин олус убаастыыр, соторутаа5ыга дылы таптыыр курдук этэ да,ол биир керсу4уу кэнниттэн таптала аа4ан хаалбыт курдук улугэр буолбута. Эдэр о5олуу аны кэлин керсу4уулэригэр туох буолуон ыра санаа оностон утуйар идэлэммитэ. Кэргэнигэр те4е да кпсиэн ба5арбатар, албынныы сылдьыан санаата буолбакка кпсээбитэ. Маарыйа саастаах, ейдеех дьахтар кинини ейдеебутэ, ейеебутэ, онон уолун кытта керсен-билсэн, бэйэтигэр чугстыы улэ5э ылбыта. Уола бастаан утаа аргылыыр этэ, онотон элбэх кэпсэтии кэнниттэн кене бы4ыытыйбыта. Били бы4ылаан кэнниттэн Былатыан бэйэтэ да ийэтин дьиэтигэр уктэммэтэ5э. Кэлин кэлэн сана дьиэ тутан биэрбитэ, кестубэтинн сылдьан харчы хаалларар идэлэммитэ у4у. Дьэ оннук дьыллар-хонуктар аа4ан истилэр. Анжела инбэииттэр оскуолаларыгар улуус киинигэр киирэн уэрэнэн бутэрэн эрэр.
Анжела ол бы4ылаан ту4унан ейдуурэ эбитэ дуу, ким да билбэт. Александра ол ту4унан кэпсэппэт да5аны, куттанара диэн сур. Дьон син биир хантан эрэ истэн билбит этэ да, хата ол ту4унан ким да тыл та4ааран кэпсппккэ, истэригэр тута сылдьаллара. Анжела дьонно кестерунэн сурдээх эйэ5эс кыыс этэ. Ол гынан баран и4игэр сурэх ыарыыта ытарчалана сылдьара ааспата. Бы4ыыта кини ейдуур.
Утуйаары сытан ол ата5астаабыт ки4итин ойуулаан иэстэ4эрин ту4унан саныыр. Кини улаатта5ын аайы ол ыарыыта улаатан и4эр. Сыл-хонук аа4ара тургэн. Анжела быйыл инбэлииттэри уэрэтэр специальнай уэрэх салататыгар тиийэн, бэрт чэпчэктик киирдэ. Ол сыльдан биир уоллуун билистэ, онтукайбыт киирбит-тахсыбыт чонойбут уол. Кинилиин биирдэ подругатын биэчэригэр сылдьан билсибитэ. Уол керунунэн сурдээх улахан ки4и, майгытынан о5о курдук ки4и итэйбэтинии элэккэй.
Анжела кинини кытта смс, тэтэрээт лии4ин ненуэ эрэ кэпсэтэр. Икки сылынан кинилэр ыал буолр буолбуттара. Анжела ол кун чуга4аан истэ5ин аайы туун утуйбата элбээн эрэр. Кини кэбсээбэтэ5э. Аны кини билиэ турда5а, оччого хайдах буолаллар? Те4е да бириэмэни бытаарда сатаатар ол кун бугун ууннэ. Сыбаайба. Анжела эбээтэ, "э4ээтэ", кылаа4ынньыктара, до5оторо тобус толорулар. Уэруу-кетуу угэнэ. Анжела бу киниэхэ анаммыт биир саамай уэруулээх кунугэр уэрбэт-кеппет. Александра кыы4ын керен сэрэйэр. Быыс булан ыныран ылла.
Миша кэргэнэ буолуохтаах кэрэ анара, хайдах эрэ тымныйан хаалбытын бэлиэтии керер этэ да, долгуйара оччо буолуо диэн на4аа кэпсэтэ сатаабата5а. Кини Анжелатын на4аа куускэ таптыыр. Кини курус да буоллар на4аа киэн харахтарын, у4ун кыламаннарын, хойуу су4уо5ун олус астына керер. Кунду чыычаа5ын туохха да тэннээбэ-кунэ ыйа. Бу куну кини те4е ер кэтэстэ этэй, те4е ер кэргэн ыларын и4ин охсуста этэй, киниэхэ бугун саамай дьоллоох кун, бу кунтэн ыла Анжела кини оло5ун аргы4а.
Александра сиэнин ыныран кэпсэтэ сатаата да ту4а тахсыбата. Анжела умса туттан туран баран, теттеру ойон хаалла. Туун 3 чаас са5ана тумуктэнэн дьиэлэригэр тиийбэккэ, тутатына гостинница5а аттаннылар. Миша ере кете5уллен санаата кене сылдьар. Невестатын илиитигэр кете5ен киллэрэн хос ортотугар олордон кэбистэ. Арай кербутэ Анжела ытыы олорор эбит. Миша со4уйда а5ай. Ол гынан син кэпсэтиигэ киллэрдэ. Анжела тэтэрээт лии4ин, ручканы кердеен ылан остуол иннигэр олорунан кэбистэ. Миша санаатыгар на4аа ер кэтэстэ, туох буолла5ай диэн ону-маны барытын санаан ылла. Анжела кумаа5ыны Миша5а туттаран баран сур тургэнник душ и4игэр киирэн хаалла. Миша кумаа5ыны аахта, хас да тегул аахта. Онтон хомунан тахсан баран хаалла.
Анжела сарсыарданнан хо4угар тахсыбыта ки4итэ суох. Кини тугу саныан билбэтэ5э, бэйэтин быра5ыллыбыт ки4иннэн аа5ыммыта, на4аа хомойбута. Туох и4ин мин ол5ум маннык буолла, туох айыым-харам и4ин диэн и4игэр саныы-саныы ытыы олорбута. Миша ол туун та4ырдьа тахсан тымныы ыраас салгыны туэ4ун мунунан э5ирийэн ылбыта. Еер да еер уулусса устун хаамыталаабыта. И4игэр олус диэн кы4ыйбыта, ол дьиикэй ессе сыбаайба5а баара инник диэн санаан ыла-ыла хаары ы4а тэбиэлиир.
Ити туун итинник ааспыта. Миша кэргэнинээн аны ити ту4унан кэпсэппэттэр. Син ыал курдук олорон са5алаатылар. 1 сыл ааста, 2 сыл ааста, 3 сыл ааста. Григорьевтар дьиэлэрин и4э. Анжела санаар5аабыттыы туннугун ере манаан олорор. Дьиэ и4э ыраас, ас сыта ки4и муннун кычыкалатарга дылы, и4ит-хомуос дэлэй, сыаналаах мебель араа4а. Миша диваныгар тиэрэ ту4эн сытан ха4ыат аа5ар. Арай дьиэ5э дьол суох... О5о кулбэт, ытаабат. Кинилэр иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ейе4еллер этэ билигин тэйсибит курдуктар. Анжела туунун ытаан хонор идэлээх, Миша бастаан уоскута сатаан баран, кэлин кэннинэн хайы4ан утуйан хаалар идэлэннэ. Бу сыл кинилэр Александра5а сана дьыллыы тахсыахтаахтар. Ону санаан Анжела син санаата кете5уллубуттуу сылдьар.
Кинилэр кэлэр киэ4элэригэр Александра хара сарсыардаттан дьиэтин и4игэр-та4ыгар теттеру-таары элэнниир, со4уйуохпут и4ин со5отох буолбатах. Сабыс сана дьиэ и4э ордук тупсан кестер, туннук аайы араас уотунан онньуур гирлянда, бэртээхэйдик симэниллибит харыйа киэн саал ортотугар дьиримнии а5ай турар. Ол тула кыракый оголор тегуру4э оонньууллар. Виссарион ха4ан да маннык са5а дьолломмута суо5а. Кини Маарыйатынаан о5о керер дьолун билбэтэхтэрэ. Билигин бу ха4ытыы, кулэ-уэрэ, ы4ыахтана сылдьар сиэнчээннэрин керен кэтэх тардыстан олорор.
Уола Платон билигин ыаллыы дьиэ5э бэрт улахан дьиэ кэргэн буолан олорор. И4иттэххэ аргылыырын отой бырахпыт, улэ уэ4угэр сылдьар. Кэргэнэ керуэхтэн кэрэ, дьикти нарын дьахтар. Киэ4ээ дьонноро тиийэн тигинээн кэллилэр, Анжела ыал буолуо5уттан о5о саа4а ааспыт дьиэтигэр биирдэ да уктэнэ илигэ. Дьиэ5э киирэн эбээтинээн куусту4ан-уура4ан, кэпсэтэн, санаа уллэстэн а4аан-сиэн утуйбуттара. Эчи учугэйин дьиэ сылаа4а уонна, уонна кырачаан о5олор муннуларын тыа4а, эчи мин.
Арай кутуэт ки4и, то5о эрэ утуйбакка та4ырдьа олорор. Анжела хайдах эрэ куттаныах санаата кэлитэлээн барда. Те4е да оло5о табыллыбатар бу о5олору керен Анжела убайыгар естенен кэлбитэ аа4ан хаалбыт курдук, эмиэ да хайдах эрэ убайын оло5ор ымсыыра санаата. Сарсыныгар кулуупка улахан быраа4ынньык, бэртээхэй концерт буолан ааста. Анжела подругаларын керсен уэруу-кетуу бегете. Дисотека бириэмэтин ортотугар арай кербутэ кэргэнэ суох.
Тургэнник хомуна охсон дьиэтин диэкки ыстанна. Анжела дьоно бары кулууптан сана тахсан эрэр бириэмэлэрэ. Арай суол устун суурэн истэ5инэ суол кытыы еттун диэкки биир ки4и хайа эрэ ки4ини охторон ту4эрдэ уонна быыстала суох сырайын эттээбитинэн барда. Уэ4э олорооччутун Анжела биллэ, кини кэргэнэ. Анжела ыксыы-ыксыы тиийэн кербутэ убайа сиргэ муннун хаана то5о баран умса туттан олорор, Миша сурдээ5ин кыы4ырбыт керуннээх. Анжела турбахтыы ту4эн баран, са4а сыппыт иэстэ4эр санаата киирэн кэллэ, оччугуй, синнигэс илиилэринэн убайын сахсыйа сахсыйа тэб*****э, о5уста. Ол тухары убайа утарыла4ан кербете. Анжела сылайыар диэри сулумахтаста.
-Чыычаах, сеп буолуо... Танара барытын иэстэ4иэ.. уоскууй-дии Миша кэргэнин санныттан тутан ылан бэйэтин диэкки татта. Бу бы4ыыны аттынан аа4ан и4эр икки кырдьа5ас о5онньор керен аастылар, аа4ан и4эн "Иэстэ4эр ки4ин баар буолбут, хантан ылбыт сирэйгинэн, туох да саата-суута суох олрбутун суох буолуо"-дии дии хаамса турдулар. Анжела ере дьигиннии-дьигиннии кэргэнинээн хаамсан истилэр. Ити бириэмэ5э Виссарион эдэрдэри ситэ баттаан ылла, хатыылаах ба5айы хара5ынан керутэлээтэ: -Михаил Александрович туора хаамса ту4уэх эрэ - диэбитинэн уолу харбаан ылла. Виссарион те4е да кырыйдар куу4э уостубакка сылдьар эбит. Миша да саастаах ки4иэхэ утарыласпакка хаамса турда. Анжела керде5унэ Миша Виссарионна тэтэрээт лии4э кум-хам тутуллубутун сиэбиттэн ороон биэрдэ.
-Бу тугуй!!! Туох диэн эттэххиний?- Виссарион ейдеебетехтуу уолу одуулуур.
Дьон аймана тустэ, тула эмиэ умуэру4уу буолла. Виссарион ол кы4ын оло5уттан туораабыта. Аны Александра эмиэ с5отох хаалла. Бу кыратык кестен ааспыт дьоллоох кэмин куруук саныы-саныы ере тыынар эрэ. Онтон атына тугуй? Дьэ ити курдук эмиэ хас эмэ ый ааста. Биир сарсыарда Анжела то5о эрэ санаата ере кете5уллэн у4угунна. Сиэркилэ утары туран сирэйин оно4унна, батта5ын тараанна. Сарсыарда ууттээх хойуу да хойуу кофе и4эрин олус таптыыр идэтэ.Онон ункуулуу-ункулуу кофетын и4э, эмиэ да оносто турда. Ол туран кини ис-и4иттэн хайдах эрэ нуэлуйэн ылла онтон туалет диэкки суурдэ. Онтон суурэн тахсан уура сыппыт тестарын ылан, теттеру суурдэ. Киэ4ээ кэргэнэ кэлбитигэр уэруулээх сонунун кэпсээтэ... То5ус ый биллибэттик, на4аа дьоллоохтук аа4а о5устулар, кырачаан уол бастакы ха4ыытын кытта Анжела часкыйбытын бэйэтэ ейдеебекке хаалла. Аттыгар турар кэргэнэ ити бириэмэ5э туохтан ордук уэруэн билбэккэ, кэргэнин суу4уттэн куускэ да куускэ сырылаччы сыллаан ылла. Дэриэбинэ5э Александра дьиэтин аанын лыгыччы сапта уонна хайа эрэ сана иностраннай маркалаах, урдук масыына5а киирдэ. Ити кэннэ дэриэбинэ5э биирдэ да кестубтэ5э. Арай иччитэхсийбит дьиэтэ кимэ да суох, сойо хаалла. Кун киэ4эрбит туннукпун сабан кээстим уонна ере тыынан ыллым...
Кэлин Александра сиэнигэр киирбитин истибитим. Барахсан на4аа кырдьаахтаабыт этэ. Т343 да оло5ор инник ыарахаттары кердер то5о эстэн-остон биэрбэтэ5э. Хатан киирэн хос сиэнин буэбэйдэ4эр у4у. Анжела о5олонор кунугэр часкыйбытын на4аа со4уйбут этэ. Кыратык сал5алас со5устук дор5ооннору та4аарар буолбут этэ. Куса5ана диэн о5олоро терууругэр сурэ5эр порогтаах уонна ньиэрбэ ыарыылаах тереебут. Те4е да о5олоро ыары4ах буолбутун и4ин Миша уолламмытыттан на4аа уэрэрэ "Мин уолум доруобуйата кенен, бэйэбинээ5эр ордук куустээх ки4и буолан тахсыа диирэ. Миша бэйэтэ а5ата суох улааппыт буолан, куруук уолбуттан ханна да барыам суо5а, ха4ан да быра5ыам суо5а диэн тыллаа5а. Анжела о5олонон баран икки ый устата балыы4а5а сытан эмтэммитэ. Ити бириэмэ5э Александраны Миша бэйэтин дьиэтигэр та4аарбыт эбит. Александра те4е да кырыйдар сиэнэ уолламмытын истэн на4аа уэрбутэ.
Кырачаан ки4иэхэ сотору-сотору быраас кэлэн барара. Туунун Миша уолун бэйэтэ буэбэйдиир. Сарсыарда туран эрдэ улэтигэр аттанар. Миша а5ата икилээ5эр о4олго тубэ4эн суох буолбут эбит. Э4ээтэ биирдэ эбит кэлэн барара. Ол куннэри Миша туохтаа5ар да ордорор этэ. Э4ээтинээн зоопарка5а, парка5а сылдьаллара. Ол гынан баран э4ээтэ то5о эрэ 3р буолбат этэ. Кэлин улааппытын кэннэ отой да биллибэт буолан хаалбыта. Ийэтиттэн ыйытта5ына сугун-са5ан эппиэттээбэтэ. Онон Миша э4ээтин билиннээнни диэри кэтэ4э саныыр, эмиэ да ийэтиттэн ыйытыан туттунар. Кэлинни бириэмэ5э кинини ханна тиийбитин, тыыннаа5ын-суо5ун билиэх санаата кииртэлиир.
Бугун уэруулээх ку Анжела балыы4аттан тахсар кунэ. Балыы4а5а сытар эчи ку4а5анын. Туэрт муус манан истиэнэлэри до5ордо4он сыта5ын,эбиитин сиэстэрэ чуэчэ кырыы хара5ынан кере-кере куруук и4игэр тугу эрэ ботугуруу сылдьар. Быраастар этэллэринэн, Анжела санарар кыахтаах буолан та5ыста. Онон бугун эмиэ биир дьоллоох кун. Та4ырдьа тахсыбыта Миша илиитигэр учугэй ба5айы э4э ооньуурун туппутунан утары хааман кэллэ. Иккиэн илии-илиилэриттэн ылсы4ан суол устун хаамса турдулар. Александра дьиэ и4игэр хомуна сырытта. Ол сыльдан эргэ паапка и4игэр тобус толору хаартыскалары булан сыымайдаан кере олордо.
19** сыл. Та4ырдьа на4аа да учугэй. Куорат устун араас еннеех массыыналар теттеру-таары субуута4аллар. Кыратык хаар ту4эр. Антон иннин диэкки хара паапка тутуулаах ту4унэн и4эрэ кестер. Автобус тохтуур сиригэр балай да турбахтаата. Сотору согус бу ты4аан-уу4аан тиийэн кэллэ. Антон и4ирдьэ диэкки ойон истэ5инэ утары на4аа кыра4ыабай кыыс хайа эрэ уоллуун хаамса унаарыс гынан хаалла. Антон ол дьону кэнниттэн баты4а одуулаата, сутуругун кум-хам туппахтаата. Ити кини билэр кыы4а. Былырыын сайын улуус ы4ыа5ар тахса сылдьан билсибитэ, ол ку4унугэр бииргэ улэлиир коллега кыы4а буолан уэрдубутэ.
Бастаан утаа хайдах эрэ кыыс киниэхэ мичэрдиир курдуга, онтон биир бириэмэ5э кинилэргэ сана улэ4ит ананан кэлбитэ. Биир кун Антон отделыгар сурдээх беден, эдэр, сирэйинэн да мелте5е суох ки4и киирэн кэллэ илии уунан дорооболсто: -Дорооболрун, Виссарион Николаевич диэммин! -Дорообо, дорообо Антон Павлович, онтон бу мин коллега кыргыттарым Таися Михайловна, Елена Владимировна уонна - диэн истэ5инэ...Виссарион у4ус кыыска тиийэн кэллэ уонна сур киэн харахтарынан дьээбэлээх ба5айытык кере-кере: -Уой да кыр4ыабай да кыргыттар ортолоругар улэлиир буолбуппун-диэн ымах гынна. Антон хайдах эрэ сурэ5э хамнаан ылла. Кыргыттар бэйэлэрин ортолоругар тугу эрэ сипси4э, кулэ-сала олордулар. Антон бу туун сатаан утуйбата, санаатыгар кини сурэ5ин анаарын арааран ылан эрэр курдуктара. Онон сарсынныттан, хайдах эрэ кус ылан тапталын ту4унан кэпсиэх буола хонно.
Сарсыныгар Висса улэлии тахсыбат кунэ. Антон бугун Шураны кытта кэпсэтэр санаалаах кабинекка киирдэ. Кыргыттар саната суох бук ту4эн улэлии олороллор. Киэ4э улэ бутуутэ Антон Шура5а чуга4ыы кэллэ уонна "кыратык хаала ту4ээр эрэ"- диэтэ. Кыргыттар со4уйбут курдук кердулэр. Кыргыттар тахсан барбыттарын кэннэ Антон Шура утары олорунан кэбистэ уонна туох баарынан кэпсээнин тургэн улугэрдик кутан кэбистэ. Шура: -Антоон, мин эйигин убастыы керебун, ол гынан баран мин эйигин таптыыбын диир кыа5ым суох. Кистээбэккэ эттэххэ Висса бугун миигин киэ4э киинэ5э ынырбыта. Онон эйиэхэ сымыйаны эрэннэрбэппин.-диэн баран тахсан баран хаалла. Антон мах бэрдэрэн олордо ол быы4ыгар хара5ын уута ыгыллан тахсарга дылы буолла.
Кун аайы улэтигэр кэлэн Антон эдер уолу Шуратыгар кунуулуурэ улаатан истэ. Керде5унэ куруук сиэтти4э, кулэ-уэрэ сылдьаллар. Сотору кэминэн Висса армиялыыр буолан хаалла. Барар киэ4этигэр Шуратын кэтэ4ээр диэбитэ уонна кунду таастаах би4илэх бэлэхтээбитэ. Сарсыныгар улэтигэр тиийбитигэр Антон кырыылаах харахтарынан керутэлээбитэ. Киэ4э улэ кэнниттэн кэлэн куу4а сатаабыта. Шура ата5астаммыт ки4и бы4ыытынан хара5ын уута халыс гыммыттара. Антон хаайан туран: -Шура, ейден ити ки4и хас биирдии дьууппалаа5ы сугун а4арбат ки4и, эн кинини кэтэ4эн харыан сылларгын куоттарыам. Мин эйиигин илиибэр кете5е сылдьыам, тугу ба5арбыккын барытын ылан биэриэм - диэтэ. -Халбарыаа!!!-диэбитинэн Антону туора анньан тахсан куота турда.
Ити кэннэ Александра улэтигэр тахсыбата5а, теттеру тереебут дойдутугар тахсарга ку4эллибитэ. Кини онно со5отох ийэлээх этэ. Онно тиийэн хат буолбутун ту4унан билбитэ. Дьон бары бу кыыс хонууттан о5оломмут ду диэн саат-суут б353т3 буолбуттара. Висса Шуратын улэтигэр суруйар этэ, ону онтон ыла-ыла барытын кистээн и4эрэ, онон дьуэгэрэ билбэккэ хаааллара. Кэлин Висса кэтэ4э сатаан баран суруйбат буолбута. Икки сыл номнуо аа4а охсубута. Улэтигэр кэлэн Шуратын сураспыта онуох Таисия "Ээ онтун ыал буолбута ыраатта"- диэбитэ. Висса кы4ыйан бу кун танцыга сана кыыстыын билсэ диэн барар буолбута. Ону Антон билэ охсон, киэ4ээ ол сиргэ тиийбиэ уонна Висса биир кыыстыын куусту4ан олорорун ту4эрэн ылбыта. Ол кэннэ Шура суолун суоллаан дэриэбинэ5э тиийэн кэлбитэ.
Антон Шура барбытын кэннэ Фатина диэн биир дьу4унунэн боростуой да буоллар, бэрт эйэ5эс майгылаах кыы4ы кэргэн ылан уол о5олоно охсубуттара. Антон Шураны умном дии санаабыта отой да ейуттэн тахсан биэрбэтэ5э, онон а5ыйах сыл олорон баран арахсан барбыта. Дэриэбинэ5э тиийэн дьонтон ыйытала4ан Шура дьиэтин булбута. Ити бириэмэ5э Шура ийэтэ 3л3н, ол а4ыытыгар ыллара сылдьара. Онно эбии буола Антон Висса хаартыскатын ылан кердербутэ. Ол онно Александра кы4ыытыттан Антонна себулэнин биэрэн кээспитэ.
Билинни куннэр. Александра паапканы ылан ууран истэ5инэ и4иттэн хаартыскалар таммалаан тустулэр. Арай керде5унэ сурдээх билэр ки4итэ кестен кэллэ. Ылан кербутэ кэргэнэ Антон хаартыската "тыый бу ки4и хаартыската манна хайдах кэллэ5эй, миэхэ маннык хаартыската суо5а эбээт".Салгыы атыттары кербутэ, арай Мишаны Антон санныгар сукпут уонна парка устун хааман и4эр хааман и4эр хаартыскаларыгар хара5а иннэн хатана тустэ. "Ама, ама оннук буолла5ай?!!" Александра аймана тустэ. Мишалаах Анжела иккиэн кулэ-уэрэ бу киирэн кэллилэр. Миша Александра со4уйбут харахтарын керен муодаргыы санаата да хос диэкки аа4а турда. александра сырсан киирэн хаартыскалары кердере-кердере "Бу кимий Миша?!!- диир, "Ээ ити мин э4ээм, Антон о5онньор, того ыйыттын, билэр этин дуо?"-диэн тана4ын уста туран ыйытта. Александра сурэ5э бэллигирэс буолла уонна олоппос урдугэр лык гына олорунан кээстэ.
Александра Миша Анжела хаан уруу убайа буоларын итинник биллэ. Ол гынан баран хайдах да ити ту4унан кэпсиэн тыла барбакка, хо4угар киирэн сытынан кэбистэ. И4игэр о5олоругар ити ту4унан хайдах кэпсиэн толкуйдуу сытта. Санаатыгар олорбут оло5о кини биир сыы4атыттан барыта ки4и сиргэ силлиэхтик теттеру еттулээх буолан та5ыста.
Былатыан били а5атын кемсу4эн баран дьиэтигэр, бэрт буруйдаах ки4и курдук бук туттан киирэн кэлбитэ. Кэргэнэ кини урукку дыалатын ту4унан билэн олорор этэ. Онон билигин кинилэр дьиэ кэргэннэригэр тынаа4ыннах бириэмэлэр уунэн тураллара. Киирэн кэлбитигэр кэргэнэ туох баар сээкэйдэрин чымадааныгар хааламмыт уонна та4ырдьаны туннугунэн манаан олорор эбит. Массыына кэлбитигэр сур тургэнник хомунан тахсан баран хаалла. Былатыан тохтото сатаабата, ити ту4унан кинилэр белуун тууну бы4а айдаарсыбыттар. О5олорун эрдэтинэ эбээлээ5эр ыыппыттара. Онон былатыан билигин дьиэтигэр бук ту4эн олороро кестер. Кини бу бы4ыыга кими ордук бууйдуурун ким да билбэт.
Александра те4е да куттаннар о5олругар тугу билбитин ту4унан кэпсииргэ ку4эллибитэ. Ол кэннэ Миша харах уулаах дьонуттан арахсарыгар тиийбитэ. Онон Александра сиэнин хос сиэнин илдьэ эмиэ дэриэбинэлэригэр дьуккуруйбуттэрэ. Миша дьонугар кемеле4уэх буола хаалбыта.
Хомойуох и4ин Анжелалаах уоллара ки4и буолбата. Анжела ити кэнниттэн аргыга ылларда. Улэбиттэн дьиэ5э теннен истэххэ куруук уулусса5а улахан итирик хаамыталыы сылдьар буолаачы. Анжела убайын дьиэтигэр киирэн кэллэ, Былатыан Анжела киирэн кэлбитигэр и4э олорор чэйин остуолга уурда уонна дьыбааныгар тиийэн туннэри хайы4ае олорунан кэбистэ. Дьиэ и4игэр уу-чуумпу. Анжела туора-маары уктэнэн остуол иннигэр олорунна. А5ыйах бириэмэ и4игэр тугу эрэ элбэ5и толкуйдаата бы4ылаах. Онтон туран остуолга сытар саха бы4а5ын туппутунан убайыгар чуга4аан кэллэ. Былатыан "хайа бу дьахтар иирдин ду, тыыммын и4иллии кэллин да" дии-дии ойон турда. Анжела ис-и4иттэн ку4а5ан ба5айы сананы та4аара-та4аара убайыгар саба ту4эр, Былатыан кыы4ырбыт омунугар балтын хаста да искэ охсуолаата. Охтон туспутун кэннэ иирбит ки4илии бы4а5ынан, ха4ыытыы-ха4ыытыы хаста да сурэ5ин диэкки охсуолаата.
Дьэ, алдьархай ааннаата. Ити кэннэ Былатыан хаайыыга барбыта. Александра ма4ын киллэрэн баран оронугар баран сытта. Ол сытан хра5ын уута быыстала суох суурэлиир. Кини оло5ор керсен ааспыт дьннорун Виссариону, Антону уонна иккис кэргэнин Мэхээ4и ойуулаан керер. Ол быы4ыгар хайдах кини оло5о биир сыы4а бы4аарыныы кэнниттэн, ки4и тебетугэр кыайан баппаттык оно4уллан тахсыбытын сыымайдыы сытаахтаата. (Буттэ).