Кэпсээ
Войти Регистрация

Даасыкка дьылҕата

Главная / Кэпсээ / Даасыкка дьылҕата

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
01.11.2024 17:36
8k 0

An image to describe postАвтор: СуорУола 2 апреля 19:23

Бу олоххо туох буолбатаҕа баарай... Ким эрэ дьиҥнээх тапталын булан, дьоллоох олоҕу олорор. Оттон ким эрэ үйэтин тухары, этэргэ дылы, күннээҕинэн сыльар. Туох да диэбит иһин, киһи олоҕо бэйэтин эрэ илиитигэр эбитэ дуу. Эбэтэр үөһээттэн ким эрэ ыйааҕынан олоруу буолара дуу... “Чыычааҕым, дьоллоох буол...” Тамаара бүгүн үһүс оҕотүн төрөөн сытар. Кини бу оҕо кимтэн үөскээбитин бэйэтэ да билбэт. Бастакы уолун оскуоланы да бүтэрэ илигинэ оҕоломмута. Оттон иккис уолун кэлии омук киһититтэн төрөппүтэ. Ол омук киһитэ албынаан, туһанарын ылан баран, кыыс истэммитин кэннэ бэйэтин төрөөбүт дойдутугар барар аатыран, оннук сүтэн хаалбыта. Кэлин эмиэ ханнык эрэ дьахтары кытта олорор үһү диэни истэн, кэлэйэн, көрдүү да барбатаҕа. Ол кэннэ эҥин араас элбэх дьон бөҕөтө кэлэн ааспыта. Биирдии күннээҕи хоноһолор да, нэдиэлэтээҕи да “эрдэр” – ааҕан сиппэккин. Тамаараҕа эбэтиттэн хаалбыт биир хостоох “ч/б” кыбартыыралаах буолан, бэйэтин баай дьахтарынан ааҕынара. Ол гынан баран, аһыы аска аһара ылларан, билигин онтукайа суох сатаммат буолан хаалбыта. Бу төрөөбүт кыыс оҕону хайдах гыныан билбэт. Аккаас суруйан хааллардаҕына, эппиэкэлэрэ бырастыы гымматтар. Ааспыкка кэлэ сылдьан, дэлби сэрэтэн барбыттара. “Икки кыра уолгун аһаппакка, арыгыһыттары мунньаҕын. Өссө эмиэ истээх сылдьаҕын. Хайдах гынан үс оҕону иитээри гынаҕын?” – диэн эппиэкэ дьахтара саҥа бөҕөтө буолбута. Эмиэ дэ сөпкө этэн эрдэҕэ. Дьэ, тугу гынарын балыыһаттан тахсыар диэри быһаарыннаҕына сатанар. Бу оҕоттон сылтаан, икки уолун былдьатыан баҕарбат. Оҕолорун буолуо дуо – оҕо харчытын сүтэриэн баҕарбата сыттаҕа. Оннук быһаарынан, сарсыарда эрдэ турбута. Кыыһыттан аккаастанарын туһунан сурук суруйан, роддомҥа хаалларан, балыыһаттан тахсан барбыта. “Кыыспар Даша, Даасыкка диэн аат эрэ хаалларабын”, – диэн бүтэһик тылын эппитэ уонна төрөппүт оҕотугар, алҕаан дуу үгэргээн дуу сибигинэйбитэ: – Оҕом сыыһа, Даасыкка, эн миигин бырастыы гынарыҥ дуу, суоҕа дуу... Чэ, ону мин билбэппин. Мин эйигин дьоллоох буоллун диэн бу хаалларан эрэбин. Миигин кытта олордоххуна, туох да кэрэ олоҕу көрүөҥ суоҕа. Аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа суох, ону мин кыайан хааччыйбаппын билэбин. Онон, маннык ыарахан санааҕа кэлбитим иһин бука диэн... Чэ, чыычааҕым, дьоллоох буол. Мин курдук, иһэр эрэ дьоҥҥо түбэһимэ, – диэн баран, хараҕын уутун сотто-сотто тахсан барбыта. Төрөөбүт күн – Даасыкка, тоойуом, тур эрэ. Бүгүн төрөөбүт күнүҥ дии. Чыычаах, тур диибин ээ, – диэн Валентина, кыыһын хоһун өҥөйөн туран, уһугуннара сатаата. Хаһыс да өҥөйүүтэ буолла. – Мм... Маа... өссө кыратык, – диэн Даасыкка көрдөһөр. – Хайдах “өссө кыратык”? Мааҕын эмиэ итинник диэбитиҥ дии, сөп буолуо, тур. – Чэ, чэ турдум, турдум, – диэн баран, кыыс тыыллаҥнаан ылла уонна ойон турда. Түргэн соҕустук таҥнан, суунан-тараанан баран, куукунаҕа ийэтигэр тиийдэ. – Чааспыт ыраатта, баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕын. Уонна хаһан аспытын астаан, бэлэмнээн бүтэбит? Түргэнник аһаан баран, маҕаһыыҥҥа баран кэл. Чэ, ыксаа, – диир ийэтэ. – Хорошо, Ма. Даасыкка маҕаһыыҥҥа барбытыгар, Валентина соҕотоҕун хаалан баран, кыыһын туһунан санаан кэллэ. Уон аҕыс сыл буола оҕуста, бу оҕону иитэ ылбыттара. Маҥнай быраастар “кыайан оҕоломмоккун” диэннэр, улахан санааҕа ыллара сылдьыбыта. Онтон ити оҕону иитэ ылбыттара. Саҥа төрөөбүт кып-кыра киһичээнтэн акаастанан барбыттарыгар. Оҕоҕо баҕарар элбэх этэ эрээри, уочараттара кэлэ илик да буоллар, кинилэргэ биллэрбиттэрэ. Бу оҕоттон тоҕо акаастаммыттарын киниэхэ аһаҕастык: – Бу кыыс ийэтэ буор иһээччи, аҕата кимэ биллибэт. Билигин ис туруга үчүгэй курдук буолан баран, кэлин хайдах буолан тахсыаҕын кыайан этэр кыахпыт суох. Ол курдук быһаарыныҥ. Ылар буоллаххытына – ылыаххытын сөп, суох буоллаҕына – кэтэһэргитигэр тиийэҕит, – диэн, туох эрэ сээкэйи атыылыырдыы, тимир-тамыр курдук эппиттэрэ. Кыракый кыыһы көрөн баран, Валентина аһынан, сүрэҕэ ытырбахтаан ылбыта. Уонна хараҕын уута сүүрэн барбыта. Илиитигэр ылаатын кытта, кыракый оҕочоон эмиий көрдөөн, айаҕын аппаҥнатан киирэн бараахтаабыта. Сэрэнэн иэдэһиттэн сыллаан ылбытыгар, кыһыл оҕо муҥнаах эмиийигэр тиксибэккэ, улахан айдааны таһаарбыта. Валентина ийэтэ суох улааппыт буолан, кыыһы наһаа аһына санаабыта, ол иһин хайдаҕын да иһин ыларга быһаарыммыта. – Ытаама, билигин дьиэбитигэр барыахпыт, –диэн баран, оҕону ылар буолбутун эппитэ. Кыыс илиитигэр “Даасыкка” диэн аата сурулла сылдьарын көрөн, “чэ, Даасыкка да буоллун” дии санаабыта. Дьэ, ол кэнниттэн бу оҕоҕо ис сүрэҕиттэн ылларан киирэн барбыта. Төһөлөөх элбэх эрэйи көрдө этэй? Оҕото ыарыйдаҕына – тэҥҥэ ыалдьыһан, үөрдэҕинэ – үөрсэн, ытаатаҕына – ытаһан... Билигин кинитэ суох олох сатаммат. Оҕотун санаан, ыксаан ылла. “Тоҕо наһаа өр буолла?” дии санаан чаһытын көрбүтэ, баара-суоҕа чаас эрэ курдук ааспыт. Бэйэтиттэн бэйэтэ күлэ санаата. Дьэ, дьикти, төһө да төрөппөтөҕүн иһин, ис сүрэҕиттэн ылларар диэн баар эбит. Ииппит аҕата Сэргэй эмиэ кэллэҕин аайы кыыһын ыйыппытынан киирэр. Уонна тута сылдьар суумкатыттан хайаан да тугу эмэ хостоон таһааран биэрэр идэлээх. Кыра эрдэҕиттэн оннук үөрэтэн кэбиһэн, кыыһа сүүрэн кэлэн суумкатын хаһыспытынан барар. Ону Валентина өссө саҥара сатыыр: – Хайа, бу да кыыс, кыра оҕоҕо дылы, бачча сааскар диэри аҕаҥ суумкатын хаһаҕын дуу. – Ээ оҕом миэхэ син биир кыракый буоллаҕа, – диэн баран, аҕата оҕотун сүүһүттэн сыллаан ылар. Бүгүн кыыстара уон аҕыс сааһын туолар күнэ. Кыыстарыгар кинини иитэ ылбыттарын туһунан хаһан этэллэрин туһунан кэпсэтии буолбутугар, аҕата Сэргэй: – Олох этимэ, сааһа наһаа эдэрэ бэрт, – диэн бобон кэбиспитэ. – Кэнники, бэйэтэ ыал буолан оҕолонноҕуна, олох диэн тугун биллэҕинэ этиэхпит диэбитэ. Валентина ити курдук арааһы толкуйдуу сырыттаҕына, аан тыаһаата, кыыһа суумка-бакыат бөҕөтүн туппутунан, дьүөгэтин, аймаҕа кыыс Ираны кытта киирэн кэллилэр. – Маама, бу Иркабын көмөлөһүннэрэ ыҥырдым, ас астыырга, бэйэтэ тылламмыта. – Бэрт бөҕө буоллаҕа дии. Ирка, бирибиэт. Чэ, киириҥ оҕолор. Сотору ыалдьыттар мустан барыахтара. Эбиэт кэннэ, үһү ааһыыта, ыалдьыттара биир-биир кэлитэлээн бардылар. Аан маҥнайгынан бииргэ үөрэммит доҕотторо уонна, бэйэтэ этэринэн, “бодоруунньалара” бары бииргэ кутуллан киирдилэр. Игирэ кыргыттар Зина уонна Рита кэлбиттэр, оҕолор кинилэри, индийскэй киинэни үтүктэн, “Зита уонна Гита” диэн ааттыыллар. Бу кыргыттар иккиэн үкүүлүүллэрин наһаа сөбүлүүллэрин иһин. Билигин иккиэн хореографическай училищеҕа үөрэнэ сылдьллар. Олегы кытта Юрий уонна Даасыкка саамай чугас доҕоро Андрей эмиэ бааллар. Оҕолор, киирдэ киирээт, остуолу бэлэмнииргэ үөрэ-көтө көмөлөһөн бардылар. Ол быыһыгар ол-бу уруккуну санаан күлсэн, үөрүү-көтүү бөҕөтө. Түөрт чаас саҕана остуоллара тардыллан, барыта бэлэм буолла. Оҕолор хоско киирэн урукку хаартыскалары көрүтэлии олордохторуна, кэлиэхтээх ыалдьыттар бары муһуннулар. Барыларын ыҥыртаан, дьэ остуолларыгар олоруу буолла. – Күндү ыалдьыттар, бүгүн биһиги күндү оҕобут, эһиги баар-суох доҕоргут уонна дьүөгэҕит төрөөбүт күнүн бэлиэтии кэлэн олороҕут. Бары да “эн-мин” дэһиспит, бэйэ-бэйэҕитин кыра эрдэххититтэн билсибит буолаҥҥыт, кими да билиһиннэрэр наадата суох. Оҕобут бүгүн уон аҕыс сааһын туолан, улахан киһи олоҕор үктэннэ... Баҕарыаҕыҥ киниэхэ – кини суола, олоҕу көрүүтэ бэйэтин курдук наһаа кэрэ уонна көнө буоларыгар. Уонна бу аҕата Сэргэй Ильич биһикки оҕобутугар бэлэхпитин биэрэбит, – диэн баран, Валентина кыыһыгар кэмбиэр уунна. Уонна салгыы саҥаран барда: – Итиннэ эдэр кыыс баҕарбытын ылыннын, бэйэтэ билэринэн тутуннун диэн, эйиэхэ анаан муспут үппүтүн биэрэбит. Оҕом, бэйэҥ билэргинэн туһан. Ол гынан баран, туһалаахха ыытыа диэн бары эрэнэ хаалабыт, – Валентина ытыһын таһынан барда. Кэлбит ыалдьыттар, чугас дьоно эмиэ ытыстарын таһыннылар. Ол кэннэ утуу-субуу бииргэ үөрэммит оҕолоро эҕэрдэлээтилэр. Тото-хана аһаан баран, оҕолор киэһэ кулуупка үҥкүүлүү барар буолбуттарын эттилэр. Даасыкка хаһан да оннук-маннык кулууптарга сылдьыбатах киһи, дьонун диэки ыйытардыы көрөн ылбытыгар, ийэтэ Валентина эттэ. – Билигин эн улахан киһигин, баран көр ээ, билис – улахан дьон олоҕун. – Чэ, сөп, бара да сылдьыам. Сөбүлээбэтэхпинэ, эрдэ кэлиэм. – Оҕолоргун кытта сырыт ээ, хайа муҥун дьиэҕэ хаайтаран олоруоххунуй, – аҕата Сэргэй көх-нэм буолла. – Оннук, оннук, – дии түстэ Ирка кыыс. Киэһэ аҕыс чаас саҕана, оҕолор бары кулуупка барардыы тэринэн, тахсан бардылар. – Наһаа хойукка диэри сылдьаайаҕын эрэ... – диэн Сэргэй кыыһыгар эппитин, Валентина саба саҥарда. – Сырыттын ээ, бүгүн оҕобут төрөөбүт күнэ дии. Оҕолорун кытта сырыттаҕына туох буолуой? – Миэхэ оҕом – син биир кыра оҕо, – диэн күлэн кэбистэ Сэргэй. Кырыыстаах кырдьык Даасыккалаах үҥкүүлүүр кулуупка тиийбиттэрэ, музыка тыаһа ньиргийэн олорор. Киһи бөҕөтө аалыҥнас. Табах буруота былыт курдук саала иһигэр уста сылдьар. Ыһыы-хаһыы, үөрүү-көтүү. Киһи бэйэ-бэйэтин кытта хаһыытаһан кэпсэтэр. Итирик сылдьар уолаттар, ол быыһыгар кыргыттар. Маннык тыастаах-уустаах сири Даасыкка хаһан да көрө илик. Сөбүлээбэтэҕин Иркаҕа эппитигэр, кыыһа кыыһыран бурҕаллан турда. – Бу да кыыс, ол эн сөбүлээбэтэҕиҥ аайы... Бар ээ, оттон, ким да эйигин манна туппат. Бар, кыра оҕо утуйар кэмэ кэллэ, – диэн күлбүтэ буолла. Ити Ира кыыс кыыһырара төрүөттээх-сылтахтаах. Тоҕо диэтэххэ, Ирка эмиэ Андрейы таптаан муҥнанар. Ол иһин, хайдах эрэ гынан, Даасыккаттан ити уолу былдьыыр санаалаах сылдьар. Зиталаах Гита үҥкүүлүү элээрэн хаалбыттара, кинилэри батыһан Олегтаах Юра эмиэ барбыттара. Даасыкка Андрей кулгааҕар сибигинэйэн, дьиэтигэр барыаҕын баҕарбытын туһунан эттэ. Киһитэ сөбүлээбэтэхтии: – Эс, бүт эрэ, бачча көҥүллээбиттэрин кэннэ сылдьа түс ээ. – Наһаа тыастаах-уустаах. Уонна табах буруотун олох сөбүлээбэппин билэҕин дии... Ити кэмҥэ Ирка кэлэн кэпсэтиигэ кыттыста: – Тоҕо барыта эн эппиккинэн буолуохтааҕый? Кыра оҕо курдук, барар буоллаххына бэйэҥ бардаҕыҥ дии, кими да кучуйбакка. – Ирка, мин эйигин бардыбыт диэбэтим ээ. Андрейканы атааран эрэ биэр диибин дии. – Ол тоҕо кини эйигин атаарыахтааҕый? Сынньана кэлбит киһи сынньаннын ээ. Барыта эн баҕарбыккынан буолуохтаах үһү дуо?! – Суох, мин баҕарбыппынан диэбэтим дии, көннөрү, барыахпын баҕардым. – Кыра оҕо курдук буолаҥҥын. Ити дьонуҥ эйиэхэ этэ иликтэр дуо? Билигин улааттыҥ. Этиэх да эбиттэр... – Ол тугу, этиэхтээхтэрий? Кыра оҕо буолан бүт диэн дуо? – Һа, бу да кыыс, ити ыксыыр дьонуҥ эн дьиҥнээх төрөппүт дьонуҥ буолбатаҕын билэҕин дуо? Этэ иликтэр дуо? Кыра оҕоҕо? – Ирка хайдах эрэ иччилээх аҕайдык күлэн алларастаата. – Бүт эрэ Ирка, хайдах буоллуҥ, хантан ылан итинник диигиний? – тугу да өйдөөбөккө, Даасыкка итинтэн атын тугу хоруйдуон булбата. – Мин барытын билэбин, эйигин эдьиийим аах иитэ ылбыттарын. Ким эрэ сирэн бырахпыт оҕотун. Кырдьыктаммат буоллаххына, ыйытаар, – Ирка кыыһырбыта сүрдээх, Даасыкка диэки кынчарыйа-кынчарыйа хаһыытыыр. Кыргыттар хаһыытаһан барбыттарыттан соһуйан хаалан, Андрей истэн эрэ турда. Ирка аны уол диэки хайыста: – Билэҕин дуо эн, ити кыыс ийэтэ арыгыһыт дьахтар буоларын? – Бүт эрэ, Ирка, ону-маны саҥаран, дьон истиэ, – диэтэ Андрей. – Иһиттиннэр да биллиннэр, мин баар кырдьыгы этэрим туох куһаҕаннаах буолуой?! Куруук кини эрэ королева курдук тутта сылдьыахтаах үһү дуо? Ити тыллары истэн, Даасыкка үҥкүүлүүр саалаттан куотан тахсан барда. Кэнниттэн Андрей батыһаары гыммытын, Ирка илиититтэн харбаан ылан, бэйэтин диэки тарта: – Тохтоо... Сырсыма, уоскуйа түстүн. Ханна да барыа суоҕа. Ханна барбыт үһү, син биир кэлиэҕэ. Кэл, хата, үҥкүлүөх, – диэтэ, уолу кууһан баран. Даасыкка ытаабыт харахтаах киирэн кэлбитигэр, дьоно туох эрэ буолбутун сэрэйэ оҕустулар. Хаһан да кинилэр кыыстара, ытаабыт-соҥообут сирэйдээх киирэ илигэ. Аҕата ыксаан: – Хайа, туох буоллуҥ? Ким атаҕастаата? – диэн кыыһын сирэйин-хараҕын маныыр. Кыыһа саҥарбакка, муостаны көрөн баран олорор. Валентина ыксаан кыыһын тула көтө сылдьан, “оҕону хайаабыттар эрэ быһыылаах” диэн таҥаһын-сабын көрөр. – Туох буоллуҥ, чыычааҕым сыыһаа, этиий дуу... – дии-дии, имэрийэр-томоруйар. Кыыс муостаны көрөн олорон, аргыый, сэрэнэн: – Маа, Паа... Эһиги миигин чахчы иитэ ылбыккыт дуо. Мин эһиги оҕоҕут буолбатахпын дуо ол аата? – диэн баран, сирэйин илиитинэн саптан, ытаан барда. Валентина ону истэн, сүрэҕин туттаат дьигиһийэн ылла. Сэргэй ону көрөн, охтубатын диэн, эмээхсинин санныттан өйүү тутта. Уонна оргууй өйөөн куукуна диэки илдьэн иһэн: – Тоойуом, Даасыкка, кэл эрэ манна. Биһиги эйигиниин кэпсэтиэх буолбуппут ыраатта. Чэ, тоойуом, кэл, – диэн баран, эмээхсинин олоппоско олордон, ыскааптан эмин ылан биэрдэ. Даасыкка тас таҥаһын устан, дьонун иннигэр кэлэн олорунан кэбистэ. Дьонун хараҕын утары көрбөт буола сатыыр. – Ира миэхэ барытын кэпсээтэ. Миигин арыгыһыт дьахтар оҕотоҕун диэтэ. Ону эһиги иитэ ылбыт үһүгүт, ол кырдьык дуо? – Кэм кини, Ира... Ира, ийэтин курдук куһаҕан да майгылаах оҕо, – диэн Сэргэй кыыһыран, туран төттөрү-таары хаамыталыыр. – Кэм да мин балтым, тоҕо да оҕоҕо кэпсээбитэ буолла. Оо, дьэ, – диэн Валентина ытаан барда. Сэргэй кыыһын аттыгар кэлэн тохтоон, саҥата суох тура түстэ. Олоппос ылан олорон баран, Даасыккаҕа эттэ: – Тоойуом, Даасыкка, туох да диэбиттэрин иһин, эн син биир биһиги оҕобут буолаҕын. Эйигин биһиги олох кыһыл оҕо эрдэххиттэн көрбүт буоламмыт, ис сүрэхпититтэн ылларан, бэйэбит оҕобут курдук таптыыбыт. Туох да диэн саҥардыннар, эн онно олох кыһаллыма, – дии-дии, Сэргэй кыыһын төбөтүттэн имэрийдэ. Даасыкка ытаан хараҕын уута тохтоло суох саккырыы олорорун көрөн, ийэтэ Валентина оҕотун хараҕын уутун сото-сото, бииргэ ытаһан барда. – Оо... оҕом сыыһын даа... Ытаамаарыый, чыычааҕым, эн эрэ баар буолаҥҥын, бу баччаҕа тиийэн кэллэҕим. Эйигин ылбыт күммүттэн, оҕом сыыһа диэхпиттэн. Мин олохпун уһаппыт эн бааргын дии, – кыыһын кууһан ылан, инчэҕэй иэдэстэрин сыллаан киирэн барда. Даасыкка ийэтэ ытаабытыттан уйадыйан, эмиэ кууһан ылла. – Туох да диэтиннэр, мин уонна кинилэри кытта сылдьан бүттүм. Бэйэбит да олоруохпут дии, Маа? Бэйэбит да сылдьыахпыт, – диир кыыс. Сэргэй кэлэн дьонун иккиэннэрин кууһан туран эттэ: – Оннук, оннук. Куһаҕаны санаабыкка – бэйэтигэр тиийдин. Ымсыыра көрбүт – хараҕа туоллун. Иэдээн сэрэппэккэ кэлэр Били курус күнтэн номнуо үс ый ааһа охсубута. Сайын буолан, күн-дьыл биллибэккэ көппүтэ. Даасыкка дууһатыгар ол күн кэннэ туох эрэ үүйэ-хаайа тутар санаа ордон хаалбыта. Ол тугун бэйэтэ да билбэт. Арай, туох эрэ уларыйыы баарын бүтэйдии сэрэйэрэ. Уруккутун курдук наһаа үөрбэт, дьонун кытта ону-маны кэпсэппэт, ыйыттахтарына аат эрэ харата эппиэттиир буолан хаалбыта. Били, ийэтин балта Ира, ол кэннэ олох да кэлбэт буолбута. Зиталаах Гита эрэ биирдэ эмэ кэлэн, кэпсэтэн бараллара. Ол да кэллэхтэринэ, били урукку курдук буолбакка, була сатаан, ыган таһааран кэпсэтии этэ. Урукку доҕоро Андрей кыыстан тэйэн, олох да сүтэрдии сүппүтэ. Сураҕа, Даасыкканы кини хараҕар “түһэрбитин” иһин, биир күн итирэн баран Ираны үлтү сынньан кэбиспит. Ол кэнниттэн ханна барбыта баччааҥҥа диэри биллибэт. Ираҕа Андрей: “Бэйэҥ буруйгар ити кырбанныҥ. Ол-бу буолан үҥсүһэр санаалаах буоллаххына, миигин билэҕин... Мин харахпар уонна хаһан да көстүмэ”, – диэн кытаанахтык эппитин туһунан Зита биирдэ Даасыккаҕа кэпсээбитэ. – Даасыкка, биһиги Аммаҕа дьэдьэннии барар буоллубут, эн барсаҕын дуо? –диэн Валентина кыыһыттан ыйытта. – Суох, Маа, миигин үөрэхпэр докумуон тутарга анаабыттара дии, ол иһин кыайан барсар кыаҕым суох ээ. – Аҕаҥ эйигин наһаа илдьэ барыан баҕарар дии, оо, дьэ, наһаа хомойоро буолуо. Саатар бу үс хонукка көҥүллэтиий. – Мин бэйэм баҕабынан сөбүлэһэн бараммын, хайдах көҥүллэтэ сылдьыахпыный, сүрэ бэрт. Аны, туох эрэ дии сылдьыахтара, – Даасыкка, төһө да баҕарбытын үрдүнэн, эрдэ эрэннэрэн кэбистэҕэ дии. – Чэ, сөп, чыычаах, үлэлээ, – диэн баран Валентина кыыһын төбөтүттэн сыллаан ылла. Үһүс күнүгэр, Даасыкка дьиэтигэр кэлэн ас астаан дьонун кэтэһэн олордоҕуна, аанын субонуогун тыаһа тырылаата. “Дьонум кэллилэр” диэн сүүрэн тиийэн арыйа баттаабыта, милииссийэ таҥастаах эдэр уол турар эбит. Кыыс соһуйан хаалан, ааҥҥа турар киһини көрөн баран турда. Милииссийэ үлэһитэ, эдэр кыыс арыйбытыттан эбитэ дуу, эбэтэр туохтан эбитэ дуу, мух-мах баран ылла. Онтон, куолаһын оҥостон баран, ыйытта: – Сергей Ильич Захаров уонна Валентина Егоровна Захарова эйиэхэ кимнээх буолалларый? Олус соһуччу ыйытыыттан мах бэрдэрэн, Даасыкка тугу этэрин билбэккэ, толкуйдуу турда. Тоҕо бу милииссийэ үлэһитэ ону туоһулаһарый? Баҕар, кинини иитэ ылбыттарын билэн, туох эрэ айдааныгар үҥсүү киирбитэ буолуо дуо? Өйүгэр кыл түгэҥҥэ араас санаа охсуллан хаалла. Ол иһин умса көрөн баран, оргууй: – Мин... мин... дьонум, онно тугуй? – диэтэ уонна милииссийэ сирэйин дьэ утары көрдө. – Аа... ити туох... Хайдах диэххэ сөбүй... Чэ, маннык. Захаровтар массыына саахалыгар түбэстилэр. – Что? – Даасыкка хаһытаабытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. – Что, хайдах? Чахчы кинилэр дуо? – Бу аадырыс Захаров докумуонугар сурулла сылдьар буолан, манна кэлэн турабын. Мин тугун-хайдаҕын билбэппин. Миигин бу аадырыска бара сырыт эрэ диэн сорудах биэрдилэр. – Дьонум ханна баалларый? – кыыс ыксаан, бу кэлбит киһи дьонун тутан дуу, хаайан дуу сытарын курдук санаан, үрүт-үөһэ ыйытан барда. – Эн таҥнан, миигин кытта барыстаххына билиэҥ. Мин кырдьык тугу да билбэппин, – диэтэ эдэр милииссийэ үлэһитэ. – Мин билигин... – диэн баран, Даасыкка таҥна ойдо. Тамаара Тамаара кыыһын хааларан баран, арыгыга умса түспүтэ. Өйдөөх сылдьар күнүгэр кыыһын санаан моруу буолара, онтун арыгынан хам баттатар курдук сананара. Бэйэтин кытта хаалбыта буоллар, ити кыыс дьылҕата хайдах буоларын билэрэ, ол иһин, итинник кытаанах санааны ылыммытыттан, сороҕор бэйэтин хайҕанан ылара. Сотору соҕус киниттэн ийэ быраабын былдьаан, икки уолун илдьэ барбыттара. Онтон сылтаан, Тамаара иһэрэ эмиэ күүһүрэн барбыта. Уруут-урут, хаһан эрэ, Тамаара эмиэ эдэр кыыс буола сылдьыбыта ээ. Бу маннык олоххо кинини арыгы иһэрэ тиэртэҕэ. Дьиэтигэр соҕотох олорон, Тамаара бэйэтин олоҕун санаан кэллэ. Тома оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, бастаан утаа үчүгэйдэр ахсааннарыгар киирэр этэ. Онтон, үрдүкү кылааска үөрэнэ тахсан баран, өйө-санаата олох атыҥҥа көһөн хаалбыта. Кини күн аайы уолаттартан сапыыска тутар буолан барбыта. Кыыс түргэнник улаатар дииллэрэ манна көстүбүтэ. Үөрэҕэр олох кыһаллыбат буолбута, күн аайы бэйэтин оҥостортон атыны билбэт этэ. Оннооҕор атын оскуола уолаттарыттан сапыыска тутуталыыр буолан, эппиккэ дылы, “Звезда школы” буолбута. Оскуола “мисс” күрэһигэр кыттан, бастаан, үөрүү-көтүү өрөгөйүн билбитэ. Дьэ, ол кэнниттэн саҕаламмыта киниэхэ “мүөттээх” олох, үөрэммэккэ, “оскуола чиэһин көмүскүүр” аатыран, эҥин араас куонкурустары кэрийии. Бэйэтин билиммит кыыс дьылҕата лаппа уларыйан барбыта. Араас дискотекалар, кулууптар ааннара кини иннигэр аһыллан биэрбитэ. Ол сылдьан, кыыс оҕо “истэнэн” хаалбыта. Кимтэн, хантан бу оҕо үөскээбитин хантан билиэй? Күн аайы уолаттарын уларыта сылдьан күүлэйдиирэ. Дьон оҕону түһэртэрээри гыммыттарыгар, эбэтэ эрэйдээх сөбүлэспэтэҕэ. Оннук гынан, оскуолатын бүтэрбэккэ да сылдьан, уол оҕону төрөппүтэ. Оскуолатын быраҕан, киэһээҥҥи оскуоланы үөрэнэн бүтэрэригэр тиийбитэ. Витюшката үһүн туолуор диэри, син оҕолоох киһи буолан, оҕотун көрбүтэ буолара. Эбэтэ биир күн утуйа сытан, анараа дойдуга баран хаалаахтаабыта. Тома эбэтэ өлбүтүн кэннэ улам-улам арыгыга ылларан барбыта. Дьиэлээх, соҕотох кыыска киһи бөҕө сылдьара. Арыгыны кытта аһы эмиэ дэлэгэйдик таһар этилэр. Биир хонон-өрөөн, аһаан-сиэн барбытын кэннэ, аны, атыттар кэлэллэрэ. Уола биэс сааһын туоларын саҕана, кэлии омук киһитин кытта билсибитэ. Ол сатана дьиэлээх кыыска көһөн кэлэн, олорунан кэбиспитэ. Тома хат буолбутун эппитигэр, киһитэ үөрбүтэ буолан ымаҥнаабыта. Уонна биир күн үлэлии баран баран, киэһэтин дойдулуур буолбутун туһунан эппитэ. Дойдутугар бара сылдьан, кини туһунан төрөппүттэригэр кэпсиэх, ол кэннэ кэлэн илдьэ барыах буолбута. Уонна хайдах тахсан барбытай да, ол курдук сүппүтэ... Томаҕа ыарахан олох, дьэ саҕаламмыта. Арыгы туһугар бэйэтин сыҥалаан, аһыыр аһын булунар буолбута. Күн аайы “эрдэрэ” уларыйа сылдьар буолан барбыта. Онтон-мантан командировкаҕа кэлбит дьон кини дьиэтигэр хонор хоноһо буолаллара. Ол да буоллар, ол дьон кыыска харчы төлүүр этилэр. Сотору Тома иккис уолун төрөппүтэ... Уолун төрөөн тахсаат, олорбут урукку олоҕун салҕаан барбыта, оҕолорун аһатар-таҥыннарар санааттан. Урукку кэрэ дьүһүнүн арыгы быһыта сиэн, сирэйэ-хараҕа биллэ мөлтөөбүтэ. Үсүһүн истэнээт, бу оҕотун баҕас хаалларарын эрдэттэн быһаарыммыта. Витюша детдомҥа тиийэн, дьэ киһилии ас аһаан, эттэнэн улаатан барбыта. Уол спортка сыстаҕас буолан, тустууга уонна боксаҕа дьарыктанар этэ. Улахан уолаттар маҥнай кинини атаҕастаары гынан баран, бэйэтин көмүскэнэрин, эппиэттэһэн тэйэрин иһин, кэнникинэн олох да тыыппат буолбуттара. Быраатын Рустамчигы көрөр-харайар этэ. Витюша мас көнө, кыралары атаҕастаабат уонна өйдөөх уол буола улааппыта. Киниэхэ холоотоххо, Рустам, омук омуга өтөн, киитэрэй уонна дьиикэй соҕус майгылаах этэ. Убайынан хаххаланан, оҕолорго ордоотуура, этиһэрэ-охсуһара. Витюша окуоланы бүтэрээт, үргүлдьү аармыйаҕа барбыта. Икки сыл сулууспалаан кэлэн баран, олоҕун оҥосторго санаммыта. Төрөппүт ийэтигэр Тамаараҕа кэлэн олоро түһэн баран, наар арыгылаан тахсарын сөбүлээбэккэ, үлэтиттэн уопсай көрдөөн, онно көһөн барарыгар тиийбитэ. Кыра эрдэҕиттэн арыгы туохха тиэрдэрин көрбүт буолан, арыгыга олох чугаһыыр санаата суоҕа. Ийэтэ урут, кыра сырыттаҕына кэпсиириттэн, балтылаахтарын туһунан билэр этэ. Балтын туһунан сураһа сатаабытын, ийэтэ тугу да кыайан быһааран биэрбэтэҕэ. Уол балтын хайаан да булуох буолан, бэйэтигэр сорук туруоруммута. Витя үлэтигэр кыһаллымтыа, хаһан да хойутаабат уонна арыгыны испэт буолан, улахан хайҕалга сылдьара. Биирдэ участковай бэйэтигэр ыҥыран ылан, “миэхэ көмөлөһөөччү буолуоҥ этэ дуо?” диэн ыйыппыта. Уол уһуннук токуйдаабакка, тута сөбүлэспитэ. Кыра эрдэҕиттэн сордоох-муҥнаах олоххо олорбут буолан, бэйэтин курдук оҕолорго көмө-тирэх буолуон олус баҕарар этэ. Үлэтиттэн олус үчүгэй характеристика биэрэннэр, уолу бэрт түргэнник ылбыттара. Ол кэмҥэ быраата Рустамчик оскуолатын бүтэрэн куоракка кэлэн, уулуссаҕа мээнэ сылдьан, кырбанан өлбүтүн туһунан сурах кэлбитэ.

Даасыкка балыыһаҕа киирэн, дьоно ханна сыталларын ыйыталаста. Сиэстэрэ кыыс Даасыкканы батыһыннаран, палаатаҕа илтэ. Онно киирэн көрбүтэ, ийэтэ соҕотоҕун сытар.

Оттон аҕам, ханна баарый? – кыыс сиэстэрэттэн ыйытта. Суох... Аҕаҥ суох. Манна ити кинини бэйэтин эрэ аҕалбыттара. Мин билбэппин, – сиэстэрэ хараҕын куоттарда. Ийэлээх аҕам саахалга бииргэ түбэспиттэрэ дии. Аҕам ханнаный? Хантан билэбиний? Эн дьуһуурунай бырааска бара сырыт, кини билэр. Палаатаны босхолоо, манна эн сылдьарыҥ көҥүллэммэт, – диэт, Даасыкканы палаататтан таһаарда. – Бу көрүдүөрүнэн баран, үөһээ иккис этээскэ тахсаар, онно ааныгар суруктаах буолуоҕа, “Дежурный врач” диэн. Онно киирээр, – диэн баран, палаатаҕа төттөрү киирдэ. Даасыкка иккис этээскэ тахсан, кабинет аанын тоҥсуйан киирбитэ, сааһыра барбыт киһи олорор эбит. Мин ийэлээх аҕам саахалга түбэһэннэр, бу манна аҕалбыттар. Палаатаҕа ийэм бэйэтэ эрэ баар, оттон аҕам ханнаный? Даа... тойуом, дьэ, маннык. Аҕаҕын кыайан быыһаабатыбыт, эчэйиитэ наһаа элбэҕэ бэрт этэ. Аҕаҥ бэйэтинэн ийэҕин көмүскүү саба түһэн, ийэҥ тыыннаах хаалбыт. Паа... Паа... – дии-дии, Даасыкка ытаан тоҕо барда, кини хараҕар аҕатын кэрэ мөсүөнэ көстөн кэллэ. Ийэҥ... ийэҥ билигин комаҕа сытар... Билигин да туруга мөлтөх. Биһиги туох баарбытынан кыһалла сатыахпыт. Оттон аҕаҥ маннааҕы морга баар. Тойуом, аҕаҕын көмөргө, күүс-көмө буолар дьоннооххун дуо? Бааллар. Бииргэ үлэлиир дьоно уонна аймахтара, – ытыырын быыһыгар, Даасыкка нэһиилэ ыган таһаарда. Чэ, оччоҕо дьоҥҥор биллэрээр. Олох туох да докумуоннара суох буолан, кыайан биллэрбэккэ олоробун. Тоойуом, дьэ, кытаат... Дьоҥҥор эрийтэлээ. Даасыкка ытыы-ытыы тахсан барда. Балыыһаттан тахсыбыта, били эдэр милииссийэ уола утары хааман кэллэ: Мин эйигин дьиэҕэр илдьэн биэриэм. Даасыкка ытыы сылдьар буолан, сөбүлэһэн төбөтүн эрэ кэҕиҥнэттэ. Дьиэтигэр кэлэн, ытыы-ытыы аҕатын дьонугар уонна бииргэ үлэлиир табаарыстарыгар эрийтэлээтэ. Ийэтин бииргэ төрөөбүттэригэр эмиэ биллэрдэ. Аҕатын убайа кэргэнин кытта түргэн үлүгэрдик кэллилэр, уонна аҕатын табаарыстара, бииргэ улааппыт доҕотторо кэлэн, күүс көмө буолан, тиһэх суолугар атаардылар. Били, Даасыккаҕа биэрбит харчылаах каартатын кыыс биэрээри гыммытыгар, дьоно кыккыраччы аккаастаан кэбистилэр. “Аҕаҥ эйиэхэ хаалларбыт харчытын биһиги ылбаппыт” дэстилэр. Ийэтин бииргэ төрөөбүт балта, Ира кыыс төрөппүт ийэтэ Клара, “эдьиийбин көрө” диэн, дэриэбинэттэн көһөн кэллэ. Кинини кытта саҥа эрэ эмиэ кэлсибит. Кларалаах Женя Даасыкка дьонун хоһугар олохсуйар буоллулар. Клара кэллэ-кэлээт, дьиэҕэ хаһаайкалыы туттан-хаптан барда. Били, балыыһаҕа ыарыһаҕы көрө кэлбит дьоммут, балыыһа диэки үктэнэн да көрбөтүлэр. Даасыкка бэйэтэ эбэтэр аҕатын убайын эмээхсинэ солбуһа-солбуһа хоноллор.

Биир күн ийэтиттэн хонон кэлбитигэр, ааны Ира кыыс арыйда. Клара төрөппүт кыыһын ыҥыран ылбыт эбит. Даасыкка киирбитигэр эттэ:

Даасаа, ити кыыспын Ирканы манна ыҥырдым, сиэммин мин эмиэ көрүөхпүн баҕарабын ээ. Эн буоллаҕына хайаа, ити хоскун Иралаахха босхолоон биэрэриҥ ордук буолуо. Кыра оҕолоох дьоҥҥо. Эн бу саалаҕа сытыаҥ буоллаҕа дии. Манна хоноруҥ да ахсааннаах киһи, – диэн, күлбүтэ буолан ымаҥнаата. Бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр ыалдьыт курдук саалаҕа хонор киһи буолбутуттан Даасыкка санаата түстэ. Бу кэлбит дьон, манна олорор буолан баран, дьиэни да, иһити да хомуйбат буолан биэрдилэр. Ира оҕотун аҕата, ханнык эрэ омук киһитэ, биирдэ эмэ кэлэн барар. Ол да кэллэр, бу сидьиҥиҥ Даасыкканы ымсыырбыт харахтарынан батыһыннара көрүтэлиир. Биирдэ Даасыкка кыыһыран:

Эһиги тоҕо бу иһиккитин эҥин хомуйбат дьоҥҥутуй? – диэн эппитигэр, Клара ырдьыгыныы түстэ: Өссө! Бу кыыс туох диигин ээ?! Көр эрэ маны! Мин балтым өллөҕүнэ, “дьиэбиттэн тахсан барыҥ” диэри сылдьаҕын дуо? Суох-суох, бу дьиэни мин эйиэхэ хааллаттарыам суоҕа. Балтым эрэйдээх эйигиттэн сылтаан... Бэйэҥ төрөппүт ийэҕиттэн баран дьиэтэ көрдөө. Көр эрэ маны”... – диэн элбэх элбэҕи эттэ-тыынна. Даасыкка оччолооҕу истэн, дьиэттэн куотан таҕыста, ийэтигэр балыыһаҕа барда. Балыыһаҕа тиийэн, саҥаһын дьиэтигэр ыытта. Уонна түүнүн комаҕа сытар ийэтин кууһа сытан, ытыы-ытыы кэпсээтэ: Ийээ... Маа... тоҕо да эһигини кытта барсыбатаҕым буолуой! Баҕар, маннык буолуо суоҕа эбитэ дуу. Паа... паапабын санаатахпына, ытаан киирэн барабын. Паапам тыыннааҕар тоҕо да эппэтэх бэйэккэм эбитэ буолла, хайдахтаах курдук эһигини таптыырбын. Билигин суох... Төһө да төрөппөтөх буолларгыт, миигин бэйэҕитигэр ылан оҕо гынаҥҥыт, бачча тиийэн кэллэҕим. Тоҕо Дьылҕа Хаан маннык олоххо аҕалла?! Бу кэриэтин мин эн оннугар сытарым буоллар эбэтэр паапабын кытта бииргэ барбытым буоллар... Кларалаах Ирка кэлэннэр, дьиэбиттэн үүрдүлэр да диэбит курдук... Ол иһин бу манна, баар-суох чугас киһибэр... Маа... Маа... мин эйигин наһаа да таптыыбын. Миэхэ эн эрэ үтүөрүөххүн наада. Кыыс, хайдах эрэ, санаата уоскуйарга дылы буолла. Ийэтэ кыыһын саҥатын истэн эбитэ дуу, дьигис гынан ылан баран, этэ барыта күүрэн хаалла. Сүрэҕин тэбиитэ күүһүрэн, аппараата тыаһаан-уһаан барда. Даасыкка ону көрөн куттанан, хараҕын уутун сотто охсоот, сиэстэрэ кыыһы көрдүү сүүрдэ. Биирдэ Даасыкка, дьиэтигэр сууна-тараана диэн кэлэн, ааны арыйан киирбитэ, Клара аантан мөҕө көрүстэ:

– Тоҕо субонуоктаабаккын? Ааны арыйыам этэ буоллаҕа дии, – Даасыкка ийэтин таҥаһын ылан кэтэ сылдьар эбит. – Күлүүскүн манна хааллара сырыт. Биһиги күнү быһа баарбыт. Сөп дуо?! – диэн күргүйдүүр тэҥэ саҥаран баран, куукуна диэки ааһа турда. Даасыкка хоһугар киирээри гыммыта, аана күлүүстээх буолан биэрдэ. Кларалаах хос аанын аайы күлүүс туруоттарбыт эбиттэр. – Иркалаах күүлэйдии бардылар. Эн туохха итиннэ наадыйбыккыный? – диэн Клара куукунаттан өҥөйөн туран ыйытта.

– Таҥаспын ылаары.

– Аа?.. Таҥаскын диэ. Таҥаһыҥ итиннэ куулга баара буолуо, – Клара хааман кэлэн, ыскаап иһиттэн маҕан куулу таһааран, Даасыкка иннигэр анньан биэрдэ. Даасыкка куулу таҥнары сүөкээн таҥастарын көрбүтэ, сорохторо суохтар. – Оттон бу сорох таҥастарым суохтар дии.

– Ону мин хантан билэбин? Били кыыс хаһан кэлэрэ биллибэт. Кинини уорбалыыгын дуу? – диэн Клара быар куустан Даасыкка иннигэр турунан кэбистэ. Ол кэмҥэ эмискэ аан тырылыыра тыаһаабытыгар, Клара соһуйан ойон ылла. Даасыкка онтон күлэ санаата гынан баран, таһыгар таһаарбата. Клара тиийэн ааны арыйбыта, Ира оҕотун көтөхпүтүнэн киирэн кэллэ. Даасыкка мааныга кэтэр таҥастарын кэтэ сылдьар.

– Бу кыыс таҥастарын ыла кэлбит, – диэн баран, Клара куукуна диэки куотан хаалла. Ира оҕотун Даасыккаҕа көтөхтөрөн баран, хос аанын арыйан, киирэн сытынан кэбистэ.

– Мин кыратык сынньана түһүөм дии, – диэн атаахтаабыт куоскалыы ньааҕынаата. Даасыкка оҕону тутан туран хаалла. Тура түһэн баран, сыгынньахтыыр аакка түстэ. Оҕону сыбыдахтаан баран, саалаҕа көтөҕөн киллэрэн, муостаҕа олорто, ол-бу оонньууру булан, туттаран кэбистэ. Уонна бэйэтин наадатын ситиһээри, урукку хоһуттан таҥаһын ылар санаалаах тиийдэ. Ирката утуйбута ырааппыт. Эмискэ оҕо ытаан тоҕо барда. Даасыкка сүүрэн тиийбитэ, оҕо тураары уоһун быһа түһэн кэбиспит эбит. Клара ону көрөн, хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрдэ:

– Оҕону сиэбит! Соруйан оҕо сирэйин тоҕо саайан кэбистэ. Ыл, хотуй, Ира, милииссийэни ыҥыра тарт. Оҕоҥ сирэйин быһа оҕустаран баран туруоҥ дуо!

– Мин... мин буолбатах ээ... – диэн Даасыкка быһаара сатаата. – Мин бэйэм да ыҥырыам, бар, оҕоҕо олох чугаһаама! – диэн Даасыккаҕа хаһыытаан тоҕо барда.

– Дьэ, ити... Эн ол-бу диэн көмүскэһэ тураайаҕын, оҕоҥ сырайын быһа оҕустаран бараҥҥын, – диир кыыһыгар Клара, милииссийэҕэ эрийэ туран.

Сотору соҕус милииссийэ үлэһитэ киирэн кэллэ.

– Дьэ, бу турар, бу кыыс... оҕону, көр бу, быһа саайан кэбистэ сирэйин, – дии дии оҕо сирэйин көөчүктэтэн көрдөрдө. – Бу туоһулар биһиги турабыт, бу икки киһи. Бу дьахтары тутан барыҥ, – диэн Клара умайыктана турда. Даасыкка уолуйан хаалан, тугу да эппэккэ туран хаалла. Милииссийэ бартыбыалыттан кумааҕы хостоон, Клараҕа уунна:

– Манна сайабылыанньата суруй.

Клара кумааҕы лииһин харбаан ылаат, оҕону ийэтигэр көтөхтөрөөт, милииссийэ үлэһитин батыһыннаран куукунаҕа киирдэ, сайабылыанньа суруйан биэрдэ. Милииссийэ Даасыкканы УАЗик массыынаҕа олордон, отделларыгар тиэйэн аҕалла.

Даасыкканы киллэрэн, дьуһуурунай утары турар ыскаамыйаны ыйда, “манна олор” диэн баран, бэйэтэ иһирдьэ киирэн сүтэн хаалла. Чаас курдук олорбутун кэннэ, били, дьонун туһунан этэ киниэхэ дьиэтигэр кэлэ сылдьыбыт эдэр милииссийэ уол киирэн, Даасыкканы өйдүү көрөн, утары хааман кэллэ:

– Дорообо. Хайа, бу туохха кэлэн олороҕун? Даасыкка саатан тугу да эппэтэ. Уол кыыс тугу да саҥарбатыттан дьиктиргээн, тура түһэн баран, дьуһуурунайтан тиийэн ыйытта. – Билбэтим, Сергучев тиэйэн аҕалбыта. Баран киниттэн ыйыталас, – диэтэ анарааҥҥыта. Сотору соҕус буолан баран, уол тахсан:

– Захарова, миигин батыс эрэ, – диэн уһун көрүдүөрдэринэн батыһыннаран, кыракый кабинекка киллэрдэ. Кабинет ортотугар уһун остуол сабардаан турар, онно биир бөдөҥ соҕус көрүҥнээх эдэр уол көмпүүтэргэ тугу эрэ бэчээттии олорор.

– Виктор Павлович, көр эрэ... Бу кыыс аатыгар сайабылыанньа киирдэ. Маны ылсан бэрэбиэркэлиэҥ дуо? Мин, хайдах эрэ, маны итэҕэйбэппин диэхпин баҕарабын, – диэн уол олорор киһиэхэ быһаарардыы эттэ.

Виктор Павлович диэн ааттаабыт киһилэрэ, көмпүүтэриттэн арахсан, Даасыкканы өр баҕайы саҥата суох одуулаан олордо... Онтон уол иккистээн тугу эрэ саҥарбытыгар, дьэ өй булан, ыйытта:

– Ким диэтиҥ? Кимтэн киирдэ сайабылыанньа? – ол тухары Даасыккаттан хараҕын араарбат. – Чэ, сөп, бэрэбиэркэлиэҕим.

Аҕалбыт уол тахсаары туран, Даасыккаҕа сибигинэйэн эттэ.

– Виктор Павлович олох үчүгэй участковай. Эн киниэхэ барытын кистээбэккэ кэпсээн биэр. Кырдьыгы баҕас арыйар, чэ, сөп, – кыыс илиитин үрдүгэр ытыһын ууран ылан баран, тахсан барда.

– Киһитэ сайабылыанньаны ылан, хаста да төхтүрүйэн аахта. Ол быыһыгар кыыс диэки көрөн ылар, тугу эрэ ыйытыан баҕарар да, саҥата тахсыбат. Кэмниэ кэнэҕэс:

– Аадырыһыҥ, ханна олороҕун? – диэн нэһиилэ ыган ыйытта. – Ээ, чахчы да, манна баар этэ дии, – эмиэ сайабылыанньаны кытары тиһиллэ сылдьар араапар кумааҕытын ылан көрдө.

– Оҕону эн охсубутуҥ дуо? – диэн сибигинэйэн кэриэтэ ыйытта Виктор Павлович. Даасыкка саҥарбакка эрэ, төбөтүнэн илгистэр эрэ.

Ити олорор дьиэҕит кимнээх дьиэлэрэй? Дьонум... – диэн иһэн, Даасыкка дьонун санаан, илиитинэн сырайын саптан, ытаан барда. Онтон дьонуҥ? Маамам... комаҕа сытар, балыыһаҕа. Оттон аҕам... Аҕам... суох... – кыыс эмиэ ытаан барда. Бу олорор кыыс Виктор биир ийэттэн төрөөбүт балта буоларын хантан билиэ баарай?! Арай, маҥнай көрөөт, ийэтин эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскатыгар майгынната санаан ылбыта. Ол гынан баран бу кыыс төрөппүттэрдээх эбит. Баҕар, баҕар... майгыннаһар киһи баҕас элбэх буоллаҕа. Кини балтын хаһан да харахтаан көрбөтөх киһи, сатаатар хаартыскатын да көрбөтөҕө. Истибитэ эрэ, балыстаах буоларын. Ол гынан баран бу кыыс үүт-үүкчү ийэтин эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскатын санатар. Кини харахтара. Ийэтин дьүһүнэ... Виктор, кыыһы одуулаан олорон, элбэҕи санаата. Кыыс участковай кинини одуулаан баран олороруттан кыбыстан, атын сир диэки көрдө. Онно дьэ өй ылан: – Таак, билигин эн дьиэҕэр бара сылдьыахпыт. Онно тиийэн бэйэм кэпсэтэн, барытын көрдөхпүнэ сатанар, – диэн Виктор Павлович кыыска холкутук эттэ. Паапкатын ылан, кабинеттан тахсан бардылар. Кыыһы дьуһуурунай массыынаҕа олордон, дьиэтигэр тиийдилэр. Кыбартыыра аанын Клара арыйда. Милииссийэ үлэһитэ Даасыкканы илдьэ кэлбитин көрөн, айаҕа кытара түстэ:

– Бу дьахтары мин манна киллэрбэппин. Оҕобутун кырбаабыта, – дии-дии, Даасыкканы таһырдьа төттөрү анньыалаата.

– Бэйи, тохтоо эрэ. Тоҕо сүрэй, бу! – Виктор Павлович, күргүйдээн тохтотто.

– Билэҕит дуо эһиги, киһини сымыйанан баһааҕырдар иһин эппиэккэ тардыллыахха сөбүн? –Клараттан ыйытта.

– Хайдах сымыйанан этиэхпиний? Биһиги, икки киһи, охсорун көрөн турбуппут.

– Ол көрөн тураҥҥыт тоҕо оҕустара турдугут?

– Ол ким оҕону охсуо дии санаабыта баарай. Хотуой, Ира, кэлэн эт эрэ, – диэн Клара кыыһын көмөҕө ыҥырда. Ира оҕотун көтөхпүтүнэн, урукку Даасыкка хоһуттан тахсан кэллэ. Оҕо сирэйин бүтүннүү сөлүөҥкэнэн биһэн кэбиспиттэр. Оҕо сирэйин сиһилии көрөн баран, Виктор Павлович эттэ: – Бу – охсуу буолбатах, арааһа, быһа түһүү. Охсууну баҕас мин билэбин. Билигин биһиги “скорайы” ыҥыран, экспертиза оҥоттордохпутуна сатаныыһы. Өскөтүн охсуу буолбатах, охтуу буоллаҕына, дьыала сабыллар.

Ол гынан баран, өйдөөҥ. Сымыйа үҥсүү иһин эппиэттиэххитин сөп, – диэн баран, Виктор Павлович “скорайга” эрийэн барда.

Тохтуу түһүҥ эрэ, манна киирэн кэпсэтиэххэ эрэ, – диэн Клара участковайы куукунаҕа ыҥырда. Виктор Павлович төлөпүөнүн арааран, Клараны батыһан куукунаҕа киирдэ. Клара куукуна аанын саба оҕуста: Ити кыыс мин балтым оҕото ааттаах. Оҕото диэн буолуо дуо... Иитэ ылбыт кыыстара, бэйэлэрэ оҕолоро суох. Бу соторутааҕыта массыына саахалыгар түбэстилэр, иккиэн. Эрэ онно өлбүтэ, билигин балтым куһаҕан турукка сытар, дьэ, киһи буолара биллибэт. Ити кыыс дьиҥнээх төрөппүт ийэтэ олох буор иһээччи үһү. Бу кыбартыыраны ити кыыс ыллаҕына, олох иэдэйэр, мин балтым кыбартыырата буоларын быһыытынан кыһаллабын. Ону истэн, Виктор, Витюша мэйиитэ эргийтэлээн ылла. Ол да иһин, сүрэҕэ таайбыта ээ! Бэйэлээх бэйэтин балта. Бу сидьиҥ дьахтары көрүүй, кини балтын... кини ийэтин... Төһө да испитин иһин, ийэ аата – ийэ. Балтын атаҕастатыан кэриэтин... Субу охсон түһэрбит киһи баар ини, бу сидьиҥ санаалаах куһаҕан дьахтары... Тыый, тугу-тугу туойан бардым...

– Дьэ, оннук, ити кыыстан сылтаан балтым аах саахалга түбэстилэр. Кини онно үөрэр быһыылаах, кыбартыыраланан хаалаары, – Клара, куомуннааҕын булбуттуу, туруммута сүр.

– Чэ, сөп, барыта өйдөннө. Ол аата, кыбартыыра былдьаһыыта буолара быһаарылынна. Эһиги сымыйа үҥсүүгүт иһин эппиэккэ тардыллаҕыт, – диэтэ кыһыйбыт санаатыгар Виктор Павлович. Куукунаттан тахсан, Даасыккаҕа хааман тиийэн, эттэ:

– Бу дьиэ дьыалата быһаарыллыар диэри, манна олороруҥ сатаммат. Билигин миигин кытта барыс.

Убай

Даасыкканы батыһыннаран, бэйэтин дьиэтигэр аҕалла. Кыыс саатан тугу да саҥарбакка, батыһа эрэ сылдьар.

Дьиэҕэ киллэрэн, кыыһы саалаҕа олорто. Бэйэтэ кэргэнин кытта куукунаҕа кэпсэтэр саҥата иһиллэргэ дылы. Ол кэмҥэ икки кыра уоллаах кыыс сүүрэн кэллилэр. Кыыс Даасыккаҕа көтөхтөрүнэн олорунан кэбистэ. Уонна быраата кинилэргэ чугаһаары гынарын кыракый атахтарынан тэбиэлээн чугаһаппакка сордоото.

– Миэним... Мин эдьиэйим... бай маньтан...

Быраата, эдьиийин атаҕын охсуолуу-охсуолуу, Даасыкка диэки “кимэн киирэ” турда... Төрөппүттэрэ саалаҕа киирэн, оҕолоро Даасыккаҕа көтөхтөрөн олороллорун көрөн, мичээрдии турдулар.

Хаан тардыһыыта күүстээҕин көр бу, – диэн саҥа аллайда оҕолор ийэлэрэ. Бу – мин кэргэним, Юля диэн. Ити – кыыһым Оля уонна Петя, кыракыйбыт, – Виктор Павлович мичээрдээбитэ ааспат. Юля кэлэн Даасыкканы кытта илии тутуста. Уолун ылаары гыммыта, илиитинэн сапсынан, Даасыккаҕа ыбылы сыстан биэрдэ. Кыра кыыс Оля, “аны миигин ылыахтара” диэбиттии, сирэйин кистии туттан саспыта буолан хаалла. Бу оҕолорбут атыҥырастара ханна баран хаалла?! – аҕалара эмиэ да сөхпүттүү, эмиэ да бэркиһээбиттии күллэ. Мин остуолу бэлэмниэм, – диэн баран, Юля тахсан барда. Ити Юлялыын биһиги бииргэ детдомҥа улааппыппыт. Кэлин бу ыал буолан олоробут, – диэн кэпсии-кэпсии, Виктор Павлович хаартыскалаах альбому ылан Даасыккаҕа көрдөрдө. – Бу – мин турабын. Оттон бу – Юля. Кини миигиттэн биир сыл балыс ээ. Оттон бу – бииргэ төрөөбүт быраатым Рустам... билигин суох, – үөһээ тыынан ылла. Онтон ийэтин эдэр сылдьар хаартыскатын ылан, Даасыккаҕа уунна. Даасыкка көрбүтэ – үүт-үкчү кинини хаартыскаҕа түһэрэн ылбыттарын курдук, субу олорор. Бу энь дьии... – кыракый Оля, Даасыкка сирэйин уонна хаартысканы көрө-көрө, саҥарда. Даасыкка тугу да өйдөөн быһаарбакка, хаартысканы көрөн олордо. Онтон Виктор Павлович диэки көрбүтэ, киһитин хараҕа дьиктитик чаҕылыйбыт. Балтым... балтыбын буллум дии. Өр да көрдөөтүм... – диэбитинэн, кэлэн Даасыкканы кытта оҕолору бииргэ кууһан ылла. – Балтыбын уонна ханна да ыыппаппын. Бачча булан баран. Куһаҕан, ымсыы дьон оҕобун сии сыстылар. Мин кинилэри... – дии-дии, хайдах эрэ, сатамньыта суох үлүгэрдик тиэрэ хайыста, күөмэйин туох эрэ бүөлүү аспытын “ыйыста” сатаата. Валентина ...Хаһан эрэ кыра сылдьан үөрэммит оскуолатыгар муна сылдьар курдук... Оскуола уота суох, хабыс-хараҥа. Барбах түннүк эрэ сырдыгынан сырдатан, тахсар ааны көрдүүр курдук да, булан биэрбэт. Ким да суох, кини бэйэтэ эрэ соҕотоҕун хаама сылдьар. Биир ааҥҥа тиийэн, өстүөкүлэ нөҥүө көрбүтэ, оҕонньоро, Сэргэйэ ханнык эрэ билбэт дьонун кытта үөрэнэ олорор. Ааны аһан киирээри гыммыта, иһиттэн хатыылаах эбит, аһыллыбат. Ааны тоҥсуйан, тэбиэлээн барда. Сэргэй көрбүтүгэр, илиитинэн далбаатаан ыҥырда. Киһитэ кыыһырбыт сирэйдээх хааман кэлэн, аан нөҥүө туран: “Бар мантан, оҕоҥ соҕотох хаалла дии, кыыскар бар диибин... – диэн баран, төттөрү тиийэн олорунан кэбистэ. Уонна илиитинэн үүрэрдии сапсыйан көрдөрдө. Ол туран иһиттэҕинэ, ханна эрэ ырыых-ыраах Даасыккатын ытыыра иһиллэргэ дылы гынна. Валентина оҕотун санаан, кыыһын көрдүүр аакка киирдэ. Кыыһын саҥата бу баарга дылы эрээри, көстүбэт, сатаан булбат. Улахан саала нөҥүө турар, хос дуу, кылаас дуу иһиттэн кыыһа ытыыра иһиллэр эбит. Аан быыһынан көрбүтэ, балта Клара кини оҕотун, Даасыкканы, баттахтыы турар эбит. Ону көрөн, хаһыытыы-хаһыытыы ааны аһа сатаата да, киниэхэ аһыллан бэрт. Туох баар күүһүнэн ааны тардыалыы сатыы турдаҕына, оҕонньоро Сэргэй тиийэн кэллэ. “Сэргээй, оҕобутун... ааны аһыый...” – диэн Валентина хаһыытыыр. Иккиэн ааны аһа сатаан, тардыалаһыы буолла. Онтон аан хатыыра төлө барар тыаһа иһилиннэ. Аан аһыллаатын кытта, сып-сырдык кини хараҕын саба саайда...

Сырдыктан хараҕа саата-саата, аргыый кылатан көрдө, балыыһа палаататыгар сытарын таайда. Өйүгэр били күн бу тиллэн кэллэ. Улахан “КамАЗ” массыына кинилэргэ субу барыйан, утары сүүрдэн кэлбитэ...

Оҕонньорум, Сэргэйим... – диэн нэһиилэ кыыкынаан саҥа таһаарбытыгар, түүнүн маныы олорор саҥаһын Оруоса сирэйэ көстөн кэллэ: Оо... Валентина, сэгэрим сыыһа. Бэттэх кэлбиккинэн, – диэн үөрбүт саҥатын иһиттэ. Сэргэйим? – Валентина санаата баар-суох күндү киһитигэр иэҕиллэ турар. Сэргэй... бараахтаабыта. Эйигин бэйэтинэн көмүскүү түһэн. Оо... Оттон оҕом, Даасыккам? Даасыккаҥ баар, бу сотору кэлиэ, ити биллэрдим, – диир саҥаһа. – Чэ наһаа элбэҕи саҥара сатаама дуу, күүскүн эһимэ, билигин да мөлтөх соҕускун. Күүстэ мус, оҕоҥ кэлэригэр. Сотору буолаат оҕото Даасыкка, үөрбүт аҕай сирэйдээх киирэн, ийэтин кууһа түстэ:

Маа... Маа... Наһаа да кэтэстим. Маа... – дии-дии, ийэтин сыллаа да сыллаа буолла. – Даасыккам, оҕом сыыһа. Эн эрэ тускар... бу төттөрү кэллим. Аҕаҥ “баран оҕоҕун көр” диэн төттөрү үүрдэ ээ, – Валентина таптыыр харахтарынан кыыһын имэрийэ көрдө. Оо... Паа... Паапам эрэйдээх, – ийэтин кууһа сытан, Даасыкка ытаан барда. – Чэ, тоойуом, ытаама, мин кэллим дии. Сөп, Маа, бүттүм. Чэ, олорон кэпсээ, хайдах-туох олордуҥ? Сүрэҕим сэрэйэр, бу сытан оҕобор төһө эрэ сору-муҥу көрдөрдөҕүм, кистээбэккэ кэпсээ. Даасыкка туох буолбутун барытын, кистээбэккэ кэпсээн биэрдэ. Бииргэ төрөөбүт убайын хайдах көрсүбүтүн, Кларалаах туһунан эмиэ. Ону барытын саҥата суох истэн баран, Валентина оргууй эттэ: Кэм да кини кыбартыыра былдьаһа сырыттаҕа. Эн кинилэри киллэртиэ суохтаах этиҥ. Бу да кыыс, тоҕо биһиэхэ эппэтэххиний? – аны, Оруоса кэпсэтиигэ кыттыста. – Оҕонньорум тиийэн, кинилэри саҕаларыттан ылан таһырдьа быраҕаттыа этэ буоллаҕа дии. Көр да маны... Мин билигин кинилэргэ тиийэрим буолуо! – Оруоса кыыһырбыта сүрдээх. – Оруосаа, бэйэбит быһаарсыахпыт дуу, – Валентина сол да сэниэтэ суоҕа биллэр. Чэ, сөп, оччоҕуна. Суох, ити мин кыһыйбыт санаабар этэбин. Эрдэ билбитим буоллар. Даасыкка сатаатар тугу да кэпсээбэт ээ биһиэхэ. Мантан ыла үчүгэй буолан барыам. Оччоҕо барытын быһаарыаҕым. Эһиги онно кыттыһымаҥ, сөп дуо, Оруосаа? Сөп... сөп... өйдөннө. Ийэ Виктор Павлович, Даасыкканы массыынаҕа олордон, куорат 17-с кыбартаалыгар турар икки этээстээх мас дьиэ аттыгар кэлэн тохтотто. Иккис этээскэ тахсан, биир ааны тоҥсуйда. Ааны биир сааһыра барбыт дьахтар арыйда, кэлбит дьону иһирдьэ киллэрээри, туораан биэрдэ. Даасыккалаах куукунаҕа аастылар, сиһэ суох олоппосторго олорунан кэбистилэр. Виктор Павлович тугу да саҥарбакка, дьахтардаах Даасыкканы иккиэннэрин эр-биир көрө олордо. Дьахтар Даасыкка диэки оргууй чугаһаан кэлэн, кыыс иннигэр тобуктуу олорунан кэбистэ... Кыыс сирэйин-хараҕын өр соҕус одуулаан олорон баран, оргууй ыйытта: – Эн... Даасыккаҕын дуо? – уонна уолун диэки итэҕэйбэтэхтии көрөн ылла. Даасыкка бу кини төрөппүт ийэтэ буоларын тута таайда. – Мин, Даасыккабын... – диэн холус соҕустук эппиэттээтэ. Дьахтар этэ барыта салыбыраан ыларга дылы буолла, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, ол-бу диэки көрүтэлээн ылла, уолугар эттэ: – Витюша... Витюша, эн кыратык тахса түһүөҥ дуо? Мин... биири ыйытардаахпын. Виктор сүр улаханнык үөһээ тыынан ылан баран, таһырдьа тахсан барда, кэнниттэн Даасыкка аһыммыттыы көрөн хаалла.

– Тоойуом, Даасыкка... мин биири ыйытыам. Ол кэннэ... Ол кэннэ барытын этиэҕим, – дьахтар кыыс диэки көрдөспүтүү көрдө.

Истэбин... – диэт, Даасыкка дьахтар тутан олорбут илиитин эһэ тардан ылла. Тоойуом, эн миэхэ кыыһырыма дуу ?. Мин ити, ити... Эйиэхэ, түөскэр... эмиийиҥ үрдүгэр... Даасыкка түөһүгэр, эмиийин үрдүнэн хара мэҥ баарын ыйытарын өйдүү оҕуста. Ол аата, чахчы бу – кини ийэтэ эбит буоллаҕа! – ... мэҥ баар дуо?.. - диэн ыйытан баран, дьахтар кыыс сирэйин-хараҕын манаата. Даасыкка чочумча тугу хоруйдуоҕун билбэккэ олорон ылла. Онтон ойон турда уонна бу дьиэттэн сибилигин куотан хаалыан баҕарда. Кыбартыыраттан тахсан баран, төннөн кэллэ, ааны өҥөйөн туран эттэ: Мэҥ миэхэ баар. Эн ону эрэ ыйытаары гыммытыҥ дуо? Ол билигин кэлэн эйиэхэ наада буоллум дуу? Кыра эрдэхпинэ, быраҕан бараҥҥын, дьэ кэлэн... Суох, суох, тойуом, “дьэ кэлэн” диэмэ дуу... – дьахтар, кыыһын диэки көрбөккө эрэ, ытыырын быыһыгар, саҥа таһаарда. Оччоҕуна, тоҕо... тоҕо?.. Ити кэмҥэ Виктор киирэн кэлэн, ийэлээх балта ытаһа-ытаһа, кэпсэтэллэрин саҥата суох истэн тура түстэ уонна эмиэ таһырдьа тахсан барда. Даасыкка, мин эйигиттэн “бырастыы гын” диэн көрдөспөппүн. Бырастыы гымматыҥ сөп, мин ону туох да диэбэппин. Ол эрэн, иһит. Мин, икки оҕолоох соҕотох дьахтар, үһүс оҕобун, эйигин, кыайан иитэр кыаҕым отой суох этэ. Ол иһин, төһө да ыараханын иһин, хаалларарга санаммытым. Хаалларбатаҕым эбитэ буоллар... туох буолуо биллибэт этэ ээ. Оҕолорбун аһатаары-таҥыннараары төһөлөөх-сору муҥу көрбүппүн айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Миэхэ эн эрэ дьоллоох олоххо олороруҥ наада этэ ээ. Кэлин ити оҕолорбун былдьаан барбыттара. Ити убайыҥ кэннэ эмиэ биир убайдаах этиҥ ээ. Рустам диэн уол. Ол оҕом муҥнаах, киһи буолбакка, абааһы аһын батыһан, суорума суолламмыта. Мин эйиэхэ биири эрэ этиэм дуу... ону эн истиий. Мин курдук дьоло суох олоҕу олоруоххун баҕарбат буоллаххына, олох арыгы диэни иһимэ. Олох иһимэ, чугаһаама даҕаны. Ону эрэ этиэхпин баҕарабын. Мин да маҥнай киһи курдук олохтоох этим ээ. Барытын арыгы уонна... чэпчэки олох алдьаппыта. Күүлэй туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин этэбин. Билигин кэлэн көнөр суол суох миэхэ. Ити уолум оҕолорун да көрө иликпин. Маннык сирэйдээх-харахтаах иһээччи дьахтары оҕолор көрөннөр куттаныахтара диэн аҕалтарбаппын. Бу, эйигин эрэ көрөөрү, сөбүлэһэн аҕалтардым. Эн миигин бырастыы гымматыҥ сөп дии саныыбын. Дьэ, бу көрдүм, үчүгэйдик сылдьаргыттан үөрэбин. Эн дьоллоох буоларгар баҕарабын. Чэ, сөп... этэрбин эттим... – диэн баран, Тамаара түннүккэ тиийэн турунан кэбистэ. Даасыкка тугу эрэ этиэхчэ буолан баран, таһырдьа тахсан барда. Убайа массыына аанын аһан, балтын олорто, дьиэтигэр диэри тугу да ыйыталаспакка айанаан кэллэ.

Дьиэҕэ киир, мин үлэбэр бардым, – диэн баран, массыынатын гааһын үктээн кэбистэ. Киэһээ туох да буолбатаҕын курдук үөрэн-көтөн дьиэтигэр кэлбитэ, Олялаах Петята кэм да Даасыкка аттыттан арахпакка сылдьаллар эбит. Өрүү да оннук. Ханна эмэ бараары гыннаҕына, сайыһан ытабыл бөҕөтө буолаллар. Даасыкка да бэйэтэ оҕолорго убанан, ыллаттаран кэбистэ. Юля кэргэнэ балтын көрдөөбүтүн билэр буолан, Даасыкка көстүбүтүгэр эмиэ наһаа үөрбүтэ. Уонна кыыһы “биһиэхэ олох көһөн кэл” диэн ыга-хаайа сылдьар.

Дьиэ Икки нэдиэлэ курдугунан Валентина дьиэтигэр таҕыста. Кыыһа Даасыкка уонна Виктор Павлович буоланнар кыбартыыраларыгар кэллилэр. Клара ааны арыйбыта эдьиийэ Валентина турарын көрөн баран, кутталыттан сүрэҕэ тохтуу сыста.

Хайа, Клара, өлүө диэн кэтэһэн олорбутуҥ дуу? Соруйан, улуу өһөспөр да өлүөм суоҕа. Киһи оҕотун үүрбүт буола-буолаҕын. Олох киэр буолуҥ... уонна манна кэлэр суолу умнуҥ. Кыбартыыра былдьаһардаахтар өссө кинилэр. Билэҕин дуо эн – бу кыбартыыра Даасыкка аатыгар былыр үйэҕэ суруллан сылдьарын? Аҕата Сэргэй бу кыбартыыраны ылаат, кыыһыгар суруйтарбытын? Хомунан барыҥ, икки харахпар көстүмэҥ! Клара, иһиттим-истибэтим диэбиттии, хомунарга барда. Бастаан Даасыкка хоһун тоҥсуйан, Ираны уонна кини эрин, омук киһитин, ыксатар саҥата иһилиннэ. Бэрт сотору бары хомунан, тилигир гынан хааллылар.

Дьэ, ол кэннэ биирдэ Валентина, үөһээ тыынан баран: – Даасыкка, дьиэҕэр ити дьону уонна олох сырытыннарыма. Мин баарым тухары ону эмиэ, дьэ, хонтуруоллуом буоллаҕа. Кэл эрэ, чыычааҕым, – диэн кыыһын ыҥыран, сүүһүттэн сыллаата. *** Дьэ, доҕоттоор, кыракый кэпсээним манан бүттэ. Дьиҥ олоххо маннык буолбута эрэ, суоҕа эрэ, кырдьык эрэ, сымыйа эрэ. Ол эрээри, Даасыккаҕа барыта үчүгэйдик түмүктэммититтэн киһи эрэ үөрэр. Дьиҥ олоххо итинник эбитэ буоллар ньии. Аахпыт, сэҥээрбит дьоммор бары үчүгэйи баҕарабын. Куруук дьоҥҥо үтүөнү, кэрэни эрэ биэрэ, бэлэхтии сылдьыаҕыҥ. ДОМ... ДОМ... ДОМ...

Добавить комментарий