Главная / Кэпсээннэр / Олох биирдэ бэриллэр!
Добавить комментарий
Автор: ЗОЖ - 2 августа 2018 03:49
Билиһиннэрии
Муомаҕа Сергей Соркомовы киһи барыта билэр. Кини аҥардас телевизоры өрөмүөннээччи эрэ буолбакка, өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын, бүтүн дууһалыын дьиҥнээх чөл олох иһин охсуһааччы, пропагандалааччы. Ону нэһилиэнньэҕэ чөл олох иһин ыытыллар араас үлэлэргэ активнай кыттыытыттан уонна хаһыакка тахсар ыстатыйаларыттан көрүөххэ сөп. Сергей Семенович киһи ымсыырбат олохтоох. Кини олоҕор көрсүбүт ыарахаттарын этэҥҥэ туораан, маҥнайгы группалаах инбэлиит да буоллар, дьон кэккэтигэр киирэн арыгыны утары дьиҥнээх охсуһааччы буолбута. Ол туһунан бэйэтин эссе сэһэнигэр оҕо сааһыттан саҕалаан билиҥҥигэ диэри кэми итэҕэтиилээхтик, ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар тиийэр, толкуйдатар гына суруйбут. Бу сэһэнигэр, автор ааҕааччыны кытта кэпсэтии форматын тутуһан, арыгы киһи олоҕор аҕалар алдьархайын, ыар содулларын уонна түмүгэр туохха тиэрдиэн сөбүн кэпсиир. Иккиһинэн, Сергей Семенович сэһэнин маҥнайгы учууталыгар Мария Петровна Прокопьеваҕа анаабыт. Кини дьон олох ыарахаттарын туоруулларыгар, бэйэтин курдук олох очурдарыгар-чочурдарыгар оҕустарбаттарыгар сүбэлиир, чөл олох хайысхатын тутуһалларыгар ыҥырар уонна хойутаан да буоллар, оҥоһуллубут алҕаһы көннөрөн, арыгыны кытта тэҥэ суох охсуһуутугар ситиһиилэрин туһунан учууталыгар отчуоттуур курдук ньыманы туттубут. Арыгы диэн тугун, кинини батыһа сылдьан иһии туохха туохха тиэрдэрин этинэн-хаанынан билбит, кини содулуттан эмсэҕэлээбит киһи суруйбута сэһэн биир сүрүн уратыта буолар. Онон сэһэни дьоҥҥо-сэргэҕэ, ордук ыччат дьоҥҥо арыгы аҕалар алдьархайын билиһиннэрии эрэ курдук буолбакка, сэрэтии курдук көрүөххэ наада. Бу сэһэн улуустааҕы «Индигир уоттара» уонна «Кыым» хаһыаттарга бэчээттэнэн ааҕааччылар биһирэбиллэрин уонна кинилэр алгыстарынан кинигэ буолар дьылҕаланна. Мария Федотова, суруйааччы.
Маҥнайгы түһүмэх.
Дьоллоох оҕо саас.
Эн өйдүүгүөн оҕо сылдьан Уһун суолу тулуйаммыт Очуос таастан сууллубакка Айаннаабыт күммүтүн?
Розалия Старкова.
Мин төрөөбүт сирим – Муома Төбүлэҕэ. Кыра сылдьан Соболооххо төрөөбүппүн дии саныыр этим, ол онно олорбуппутун кытта сибээстээҕэ буолуо. Оҕо саас сырдык эрэ өйдөбүлэ хаалар эбит: куруук күннээх, күп-күөх халлааннаах уонна сайыннаах. Тоҕо эрэ хабыс хараҥа түүннэр, биэс уон кыраадыстаах тымныылар, ардахтаах күннэр, оннооҕор бырдахха сиэппитиҥ (оччолорго да бааллара буолуо дии, бырдахтар) оҕо саас өйдөбүллэригэр хаалбаттар. Биһиги Соболоохтооҕу дьиэбит таһыгар элбэх тиит, хатыҥ буккааһыктаах тыалаах уонна бөһүөлэк оҕото барыта мустан, таптаан оонньуур томторо баара (билигин онно убайбыт Магадан Коля дьиэтэ турар). Биир тэлҕэһэ иһигэр, аҕам убайын дьиэ кэргэнин кытта, икки ыал буолан олорбуппут. Кинилэр Ильюша уонна Суонньа диэн оҕолордоохтор. Сырыы сиринэн буолан Төбүлэхтэр кэлэ-бара биһиэхэ элбэхтик сылдьаллара. Олортон Гэриэйэп оҕонньору, кини уолун Бэлиэрийи, Уйбаан Баабылабыс Ыстаркыабы өйдөтөлөөн хаалбыппын. Аҕам эдьиийэ Өкүлүүнэ кэргэнинээн Охонооһойдуун эмиэ манна бааллара. Кинилэргэ балтыбынаан хоно сытан, түүн хайабыт эрэ ытаан, аҕабытын ыҥыттаран, түүннэри төттөрү көһөн күккүрүүрбүтүн өйдүүбүн. Аҕам Муомаҕа сибээс сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, олохтоохтортон бастакы сибээс үлэһитэ этэ. Дэлэҕэ даҕаны «Арадьыыс Сиэнньэ» диэн ааттыахтара дуо? Хонууттан кылгас кэмҥэ үлэлэринэн кэлбит сибээс үлэһиттэрэ биһиэхэ түһэллэрэ. Биһиэхэ өссө аҕам тастыҥ эдьиийэ Дьэбдьиэ эмээхсин сылдьар этэ. Туһаҕын куобаҕыттан бэссэрэ. Дьахтар туһахтыырын-бултуурун бастаан көрөр буолан, төһө да оҕо буолларбын улаханнык дьиибэргиир, сөҕөр этим. Мин өйдөбүлбүнэн булт эр дьон дьарыга буолуохтааҕа. Кэлин улаатан баран, Соболооххо үлэлии сылдьан, Дьэбдьиэ хомото диэни, ол эдьиийим хомото буолуо диирим. Сааһыары Ылдьаа Суонньалыын тахсан хаарга булумахтанан ымсыырдаллара. Биһигини тоҕо эрэ таһаарбат этилэр, ол иһин түннүгүнэн көрөн «оонньуур» этибит. Аҕам тимиринэн, маһынан уһанара, ойуулуура, арыт бултуура, балыктыыра. Суруйдаҕына сүрдээх үчүгэй буочардааҕа. Анал үөрэҕэ суох да буоллар, оччотооҕута саҥа сайдан эрэр араадьыйаны улаханнык баһылаабыт этэ. Тугу оҥорорун, туттарын барытын көрө улааппыт буолан, кирпииччэ, тимир оһоҕу, мас тыыны уо.д.а. билигин киһиэхэ этэн биэрэн оҥотторуом этэ дии саныыбын. Биир сайын томторбутугар оонньуу сырыттахпытына үрдүбүтүгэр этиҥ эппит. «Онно куотан кэлбит дьүһүҥҥүт сүрэ баара»,- диэн кэпсиирэ Суонньалаах ийэлэрэ Маайа барахсан. Ханнык эрэ бырааһынньыкка, балтым Ахсаана биһиэхэ сампаан иһэрдибиттэр. «Оҕонньор дьиэлээх» холуочуйдаҕым буолуо, ол кэнниттэн: «Балтым миигин талбытынан түҥнэри-таҥнары тутар, сүрдээх күүстээх буолбут»,- диэн кэпсээннээх буолбут үһүбүн. Манна саҥа аһыллыбыт оҕо саадыгар балтыбынаан сылдьыбыппыт. «¤этэнэ (сатана) кыыһа кэлэн ис» - диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ оҕобун илиититтэн соһон иһэр буолар үһүбүн. Оччолорго, билиҥҥи курдук Ильич лаампата суоҕа, кыраһыын лаампанан сырдатынар этибит. Убайым Сиэнньэ Хонууга дуу, ханна дуу үөрэнэрэ. Уһун сынньалаҥҥа кэллэҕинэ үөрүү-көтүү бөҕө буолабыт. Ол быыһыгар, Ылдьаалаах Суонньа эһэлэрэ Дьөгүөрдээн, биирдэ эмит итирдэҕинэ, сыарҕаҕа кэлгиттэрэрэ. Ол сытан былыргылыы ыллыыра. Онтон куттанар аҕай этибит. Биирдэ улахан дьон, кэлин санаатахпына испиири эбит, мууһунан уулаан испиттэрэ. Онно көрдөхпүнэ, муус уулларыгар дьиҥнээх балык курдук быһыыланан тахсыбыта. Ону олус диэн дьиибэргээбитим. Улаатан баран, хаста эмит оннук оҥоро сатаабытым да, табыллыбатаҕа. Арааската, мин фокусник буолуохтааҕым туһунан боппуруос үөһээ көрүллэ илик быһыылааҕа. Онтон Төбүлэххэ көспүппүт. Көтөн тиийээт, почта дьиэтигэр тиийбиппит. Исаевтар диэн ыаллар, биһиги тиийбиппит кэннэ, Хонууга көһөн киирээри олороллоро. Кинилэргэ куурусса сымыытын маҥнай амсайдым. Саһархайын соччо биһирээбэтим, сиэмээри гыммыппын дьиэлээхтэр: «Пахай мантын сиэбэт буоллаххына, саллаат буолуо суоххун»,- диэннэр, саллааттар диэн сымыыт саһархайынан эрэ аһылыктанар дьон буоллаҕа дуу диэн, саарбахтыы-саарбахтыы, саллаат буолар баҕаттан сиэтэҕим дии. Дьоммут көспүттэрин кэннэ, почта дьиэтин аҥаарыгар биһиги олорон хааллыбыт. Мин почта дьиэтин биир гына кэрийэбин. Сороҕор оройуон киинин кытта кэпсэтэ сатаан эрэйдэнэ олорор киһиэхэ: «Бу лаампаны маннык хамсат»,- диэн балтым төбөтүн хамсатан «сүбэлиир» үһүбүн. Ону үүрсэ сатаан баран, арыт ылынан, лаампаларын хамсатан көрдөхтөрүнэ, сибээстэрэ кырдьык тупсан кэлэрэ, оччоҕо аны «сүбэһиттэрин» хайгыыртан соло булбаттара. Командировкаҕа кэлэр сибээс үлэһиттэрэ бары биһиэхэ түһэллэрэ. Аны араас кэмнэргэ биһиэхэ хонон-өрөөн ааспыттара мелодист Георгий Никифоров (кырдьыга, ханна олордохпутуна түспүтүн өйдөөбөппүн, Соболооххо эбитэ дуу, Төбүлэххэ дуу?). Ол саҕана, улахан уолаттар, эдэр дьон бары кэриэтэ гармошкаҕа, баяҥҥа оонньуур этилэрэ, ону Георгий Никифоров үтүөтэ этэ диэн билигин да кэпсииллэр. Худуоһунньук Афанасий Осипов Төбүлэххэ маҥнайгы сырыытыгар биһиэхэ олорбута. Биһиги дьиэ кэргэни уруһуйдуу сылдьарын сэмээр аҕай кэннттэн өҥөйөн көрөн баран, соһуйдум аҕай: «Пахай доо, бу худуоһунньук олус дьээбэтик ойуулуур эбит дии, дьоно сирэйдэрэ эрэ баар, оттон харахтара-хаастара, муруннара-уостара ханналарый? Итинник мин да ойуулуом этэ»,- диэн испэр хоноһобун хотон кэбистим.
Бу дьиэҕэ икки бырааттарым төрөөбүттэрэ. Саһыл дьиэтэ диэн сиргэ эһэм Охоноос, эбээ Өлөксөөс олороллоро. Мааса, Суура диэн эдьиийдэрдээхпин, Баабал (кинини тоҕо эрэ, үксүн Победа диэн ааттыыллара), Оппуонньа диэн убайдардаахпын. Биһигиттэн чугас Ыстаркыаптар диэн ыаллар бааллара, биһигини кытта араа-бараа Коля, Любачык диэн оҕолордоохторо. Оҕолору барыларын да кытта бодоруспутум, доҕордоспутум. Колялар үһүөн биир араспаанньалаахтар, уҥуохтарынан эрэ араарарбыт. Улахан Коля дьиҥинэн сааһынан үһүөннэриттэн кыралара. Дьиэлэрбит чугас буолан сайыннары-кыһыннары суксуруһан аҕай биэрэрбит. Ийэлэрэ тугу эмит астаатаҕына тута сылдьан сиирбит минньигэс да буолара. Колялыын бииргэ үөрэммиппит. Өссө биир кэмҥэ паартаҕа бииргэ олорбуппут. Мас уруучуканы кирэр куһаҕан идэлээх этэ. Биирдэ уруучукатын дьиэтигэр хаалларан кэбиһэн, миигиттэн көрдөөтө. «Ыстаабат буоллаххына»,- диэммин уларыстым. Сотору соҕус көрбүтүм, киһим уруучукабын айаҕар уктан, хантайан баран өһүө мастарын ааҕа олорор эбит. Уруучукабын төттөрү былдьаан ылан, ыстаабатын диэн, угунан чэрэниилэ иһитигэр уган ылан баран, төттөрү биэрдим. Арай биирдэ көрбүтүм доҕоор, Колям айаҕа, тииһэ, уоһа бүтүннүү чэрэниилэ буолан баран, эмиэ өһүөтүн маһын салгыы ааҕа олороро… Коля аҕата биирдэ эмэ, мастан кыһан, иккиэммитигэр туох эрэ сэрии сэбин оҥорон биэрэрэ, оччоҕо биһиги киһи тэҥэ суох буоларбыт. Улахан уолаттар сэриилэһэн оонньуулларыгар бэйэбит сэриибит сэбэ суох буолан чугаһаппаттара. Аҕабыт оҥорбут бэстилиэтэ, саата үчүгэй соҕус буоллаҕына түөкэйдээн ылаллара уонна оонньоппута буолаллара. Ол аайы биһиэхэ Коля аҕата оҥорон испэт этэ. Наһаа эрэйиттэн аны бэйэм кыһан оҥосторго боруобаламмытым. Бэстилиэт оҥостон ампаалыктана сырыттахпына, улахан уолаттар кэлэн көрө түһэн бардылар. Сэрэйдэхпинэ, сөбүлээбэтилэр быһыылаах. Сэппин оҥостон баран, «сэрииһиттэргэ» тиийбиппэр, бу «саллааты» биһиги ылабыт дэһэн, былдьаһан киирэн бардылар. Биллэн турар бэйэм саастыылаахтарбар уонна кыраларга хамандьыыр буола тустэҕим дии. Сотору соҕус, «Калашников» аан дойдуга аатырарын курдук, мин мас оҥоһуктарым Төбүлэх иһигэр биллэн барбыттара. Бэйэм саа-саадах оҥорооччу быһыытынан улахан уолаттары кытта тэҥ статустаммытым. Ол гынан баран дьиэбэр, «кылаабынай саа-саадах оҥорооччу», «хамандыыр» буолбуппун билбэт ийэм, сотору-сотору, тырыта быһыллыбыт ыстаан икки, мас сыыһа икки дьиэни биир гына ыһыллара элбээбитин иһин, «кылаабынайы» таһыйан сабырҕатара. Аҕам хата ол дьарыкпын бопсубат. Эр киһи буоллаҕа, «улуу» саа сэбин оҥорооччу үйэҕэ биирдэ төрүүрүн билэр буоллаҕа дии. Биирдэ кыччана сылдьан, тойон эрбэҕим төбөтүн быһаҕынан элийэ баттааммын, хаан бөҕөтө тохтон, дьиэбэр киириэхпин куттанан, балыыһаҕа тиийэн бэрэбээскэлэтэн, киһи-хара буолтум. Аллар атаһым Юрка сааһынан аҕа да буоллар, кинилиин олох арахсыбакка тапсан оонньуурбут, аны балтын кытта бииргэ үөрэнэрбит. Юрка кинигэ бөҕөтүн ааҕар, аахпытын миэхэ кэпсиир. Хаһан эрэ табаарыһым курдук ааҕар буолабын диэн ымсыырабын аҕай. Бастакы кылааьы бүтэрэрбэр ааҕар буолбутум. Арай биирдэ туспа сылдьар кинигэ илииһин булан добдугураччы аахтым. Сүһүөхтээбэккэ эрэ аахтым. Онтон наһаа да соһуйбутум, наһаа да үөрбүтүм! Дьонум аах аттыларыгар олорон хаста да төхтөрүйэн дорҕоонноохтук аахтым. Ким да кыһаллыбат, истибэт курдук. Улахан уолаттар аттыларыгар баран эмиэ аахтым. Өйдөөтөхтөрүнэ кинилэр эрэ өйдүөхтэрэ, ааҕарга саҥардыыта үөрэммит дьон буоллахтара. Суох, эмиэ өйдүөбэтилэр. Дьэ дьикти эбит! Мин сүһүөхтээбэккэ эрэ ааҕарбын тоҕо ким да аахайбатый? Ааҕар буолтум кэннэ, доҕорум булбут кинигэтин, кини кэнниттэн мин ааҕарым, онтон иккиэн ырытарбыт. Кырачаан библиотекабыт кинигэтин куоталаһа-куоталаһа барытын аахпыппыт. Библиотека дьиэтигэр сылдьыы - бэйэтэ биир улахан бырааһынньык, кэрэ-бэлиэ түгэн буоллаҕа: кэрэттэн-кэрэ, саҥаттан-саҥа арыйыылар, билии-көрүү саҕахтара тиһигин быспакка тахса тураллара, күүтэллэрэ. Долгуйа-долгуйа кинигэ талар, үчүгэйин эриэхсит. Оччоттон - баччаҕа диэри, ханна да тиийдэхпинэ, библиотека үлэһиттэрин улаханнык убаастыыр дьонум буолтара. Биир ыалга төгүрүк луук ыстакааннаах ууга үүнэн турарын көрөн олус соһуйдум: үрэх луугун төрдө төгүрүк уонна сиэнэр эбит. Дьэ бэйи, аны сайын буолуохтун, кыһын сииргэ хаһаанар буолуохтаахпын. Күүтэн-күүтэн сайын үрэх луугун түөрэн, силистэн атыны булбакка, ботаник буолар дьылҕаламматаҕым. Аны Юралыын гражданскай уонна Аҕа дойду сэриитин геройдарын хаһыаттартан, сурунааллартан кырыйан хаартыскаларын мунньарбыт. Ол дьикти дьарыгым, дойдум историятын үөрэтэрбэр көмөлөспүтэ. Юра оройуон киинигэр орто оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, каникулга кэллэҕинэ кэһиитин ойуулары аҕалара, оччоҕуна мин коллекциям хаҥыыра. Сороҕор аҕам суруттарбыт сурунаалларын, ааҕыллыан иннинэ, ийэм этэринэн, «тырыта быһан» айдаан бөҕөтүн тардарым. Киинэни көтүппэппит. Халлаан алдьанан көтөр аал көппөккө, уһун хаайтарыылар буоллахтарына, сорох киинэни хастыыта да көрөөччүбүт. Киинэ көрдөрөр мотуор аккаастаан, арыт биир хартыынаны хас эмит күн, көһөрө-көһөрө көрдөрөр түгэннэрэ да бааллара. «Били бэҕэһээ киһибитин, акула сиэн бүтэрдэҕэ»,- диэн, киинэбитин салгыы көрө тахсан иһэн, аҕам дьээбэлэнэрин өйдүүбүн. Сөмөлүөт кэллэҕинэ, ханнык хартыыналар кэлбиттэрин, ким эмит, сүөкэһэ сылдьан, билэ охсоро уонна бөһүөлэкпитигэр улахан сонун быһыытынан тарҕатара. Сайын сүрүн дьарыкпыт сөтүөлээһин. Бөһүөлэк өҥөйөн турар хомотугар күнү-күннүктээн сөтүөлүүбүт, кумаҕар хап-хара буолуохпутугар диэри таалалыыбыт. Оҕо сааһым Төбүлэҕэ, ханнык кинигэни ааҕа сылдьарбыттан: арыт Крым биэрэгэр, арыт Элладаҕа, Скандинавияҕа, Кубаҕа, Чуумпу Доҥҥа, Тарас Бульба Украинатыгар, Күөх Арыым - Стивенсон «Кистэлэҥнээх арыытыгар», эбэтэр Робинзон Крузо тиксибит арыытыгар кубулуйаллара. Онно доҕорум Юраны уонна кинигэм геройдарын кытта куруук бииргэ буоларбыт. Хомо тирэхтэрэ, киһи соруйан олордубутун курдук сыыр аннынааҕы үүммүт мастар, сатаан саҥараллара буоллар, ким кинилэргэ ыттыбытын, «парашюттуу» оонньообутун (мас төбөтүттэн тутуһан баран сиргэ ыстанааһын) кэпсиэхтэрэ эбитэ буолуо. Киэһээ сып-сап аһаат да, эмиэ кинигэ үрдүгэр түһэрбит. Оҕолор, сыһыы талахтарын быыһыгар саһа сытан, ким эрэ дьонуттан уоран аҕалбыт табаҕын тардан бурҕаҥнаталлар. Талах чыычаахтара кинилэри «табах-тыыллар-тыыллар-тыыллар» диэн ыстырыыстыыллар. Арай талах саҕатынан ааһан иһэр киһи көһүннэҕинэ, оҕолор иһийэн чуумпуран хаалаллара. Киһи билбэккэ ааһа турара. Киэһэлик бөһүөлэкпитигэр тиийбиппит, айдаан атыыра: оҕолор тыаҕа саһа сытан табахтыыллар эбит, олох сатаналларын ааспыттар, эрдэ-сылла маны дьарыйыахха диэн. Ким мөҕүлүннэ, ким таһылынна.
Сорохтор, олох да табаҕы уоппакка сылдьан, табахтаабыттары кытта бииргэ сылдьыбыт буруйдарыгар «сууттаннылар», бары табахпытын быраҕар аакка бардыбыт. Фермалар сайылыкка көспүттэр. Түннүктэрин холуодаларыттан арааран сиргэ уурталаабыттар. Аны кэлбэттэр быһыылаах, хата, саҥа арагаайкаларбытын айааһыахха диэн, түннүктэри барытын кэрийэ сылдьан тоҕута ытыалаан кээстибит. Табарбыт да сүрдээх, ыттахпыт аайы түннүк тааһа бытарыйан кырылыы түһэр, ол аайы киһиргээн күлэн алларастаһабыт, бэргэн ытыыбытынан куоталаһабыт. Доҕорум Юрка, улахан киһи буолан, онно улаханнык дьарыллаахтаабыта. Онтон мин эһэм оҕонньор бардьыгынааһынынан буруйум боруостаммыта. Ким эрэ Күөх Арыыга сааскы уу аҕалан бырахпыт охсуу болуотун булбута. Биһиги бу болуоту Күөх Арыы аннынааҕы сөтүөлүүр сирбитигэр уһааран аҕалан, онон уста оонньуурга быһаардыбыт. Хас да күн, үлэлээх дьон курдук, сарсыарда аайы баран, киэһээ хойукка диэри отунан-маһынан олуйсан, болуоппутун ууга киллэрдибит. Юрка, Коля (Бөтүрүөбүс) уонна мин хамаандалаах болуот, «ураа» хаһыы доҕуһуолланан, «улахан айаҥҥа» туруммута. Ол гынан баран, хамаанда буруйунан эбитэ дуу, биитэр «хапытааммыт» Юрка өрүс сүнньүн билбэтэ бэрдиттэн эбитэ дуу, хараабылбыт Күөх Арыы араатыгар эрэ киирэр санаата суох, үөскэ киирдэр киирэн бара турда. Эрдинэн, анньынан туһа суох буолла. Хата, Эбэ аһыммыта дуу, Индигир кытылын уолаттара бэйэбит ууһут буолан эбитэ дуу, утуу-субуу ууга ыстаныталаан, харбаан кытылбытын этэҥҥэ булбуппут. Болуоппут уста турбута. Эрдэ ыстамматахпыт буоллар алдьархай тахсардаах этэ. Чоккурас уу буолбут таҥастаах, табыллыбатах «муоранан айаннааччылар», сүүрүккэ киирэн уста турбут «хараабылбытын» толору уулаах харахпытынан сайыһа, атаара хаалбыппыт. Роза, Юрка бииргэ төрөөбүт балта. Биһиги бииргэ үөрэнэбит. Роза, оҕо сааһым сэһэнин биир чаҕылкай ыстраныыссата. Төбүлэх оччотооҕу олохтоохторун уонна биһиги үөлээннээхтэрбит уостарыттан билигин да түспэт түбэлтэ маннык этэ. Оҕо көмүскэлин күнэ. Чаҕылхай күннээх, күп-күөх халлааннаах, от-мас көҕөрөн силигилээн турара. Хайа эрэ ампаар күлүгэр мустан сөрүүкүү сытан, ону-маны сэлэһэбит. Роза уонна икки бырааттыы Ностуруойаптар сайынын төрөппүттэрин кытта ыстаадаҕа сылдьалларын кэпсииллэр. Ол быыһыгар Роза Иҥээли дьиэтин ампаарыгар элбэх кинигэ баарын туһунан этэн аһарда. Мин онно сатыы тиийиэххэ сөп дуу, суох дуу диэн туоһуластым. Үс көс диэн өйдөбүл бачча диэн миэхэ суоҕа, сирдээҕи кээмэйдэрим Төбүлэх Саһылынан уонна Сайылыгынан түмүктэнэллэрэ. Сайылыгынан барыллар диэбиттэригэр, миэхэҕэ сайылыгы аастахха кэлэр курдук өйбөр киирээхтиир буоллаҕа. Кэпсээнньиттэр дьоммутун кытта сатыы сылдьабыт диэн эппиттэриэ, мин да сылдьар инибин диэн эрэли үөскэппитэ. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, сүбэлэһэн баран, элбэх кинигэттэн аҕалан ааҕар баҕа баһыйан, Иҥээли диэки түһэ турдубут. Өссө Улахан Коля балта, Любачык «кутуруктаахпыт». Киэһэ төннөр дьон, барарбытын кимиэхэ да эппэтибит, эгэ өйүө эҥин диэн баар буолуо дуо? Оту-маһы ааҕан, көтөрү-сүүрэри одуулаһан, сылайар-элэйэр диэни билбэккэ, утаттахпытына үрүйэлэртэн уу иһэ-иһэ тэппэрийии бөҕө буолла.. Арай кыракый Любачык кынкыйдаатаҕына, солбуһа сылдьан, сүгэн-көтөҕөн син-биир иннибит диэки дьүккүйэбит. Үс хайаны уҥуордаан, аата-ахса биллибэт үрүйэлэри туораталаан, Любачык сүгэһэрдээх, син Иҥээлибитин үөһэттэн өҥөйө түстүбүт. Бокуойа суох ампаарбытыгар сүүрүүнэн тиийэн, туох да омуна суох ыт баһын саҕа күлүүскэ иҥнэ түстүбүт. Оччотооҕу оҕо барахсаҥҥа күлүүһү алдьатар туһунан өй хантан кэлиэй? Хата, дьиэтэ аһаҕас буолан, онно киирэн, сөрүүкүү-сынньана таарыйа, аҕыйах кинигэ баарын көрө сыттахпытына, түннүгүнэн элэс гынан киһи көстөн ааста. Куттанар-соһуйар түгэн биэрбэккэ, Любачыкпыт аҕата киирэн кэллэ. Кыыспыт аҕатын диэки тойтоһуйа турда. Инньэ гынан били кинигэбит эрэ, туохпут эрэ, түөрт «күрүөйэх»: биирбит көтөхтөрөн, атыттар Уйбаан харабыллаах, Төбүлэхпит диэки төттөрү дьөгдьөрүстүбүт. Бу сырыыга сылайбыппыт улаханнык билиннэ. Хата, Уйбаан сиэбигэр уктан кэлбит биир хаа бэчиэнньэтин өл хабан абыранныбыт. Хантан ылбыта буолла, минньигэһэ диэн сүрдээх. Ол курдук минньигэс бэчиэнньэни күн бүгүҥҥэ диэри амсайа иликпин. Сотору-сотору «харабыл» хамаандатынан тохтоон сынньанабыт. Оҕус Кэрэххэ тиийиибитигэр, биһигини көрдүү кыракый Төбүлэх олохтоохторо бары кэриэтэ утары тоҕу ааҥнаан иһэллэрэ көһүннэ. Ким оонньуур свирель тыаһатар, ким халампаастаах, ким ыһыктаах, түөрт «күрүөйэх» дьоно-сэргэтэ, аймахтара бары бааллара. Биһиги сүппүппүт күнүс биллибит. Биир куомуннаахпытын Улахан Коляны таһыйан, ээҕин этиппиттэр, «күрүөйэхтэр» хайа диэки салаллыбыттарын билбиттэр. Тутатына Уйбаан биһиги ириэнэх суолбутун ирдии ыстаммыт. Төннөрбүтүгэр бадарааннаах сиргэ, кэлбит суолбут үрдүнэн кырдьаҕас лэппэрдээн ааспытын, Уйбаан анаан көрдөрбүтэ. Бука, аны күрүү оонньооботуннар диэн буолуо. Суолбутуттан көрдөххө, батыһа сылдьар курдук эбит да, кыылларга да оҕо диэн өйдөбүл үрдүк быһыылааҕа, дьээбэлээбэтэҕэ. Биһиги куттанан салгыы саҥата суох айаннаабыппыт. Эбиитин, бөһүөлэкпитин бүтүннүү атаҕар туруоран, суут кытаанаҕар түбэһэрбит буолуо диэн куттаммыппыт да, дьоммут барахсаттар көстүбүт үөрүүбүтүгэр аһатар-сиэтэр, сынньатар-утутар эрэ түбүгэр түһээхтээбиттэрэ. Балаҕан ыйын бастакы күнэ кимиэхэ баҕарар күндү буолаахтаатаҕа. Үөрэнэ киирэрбитигэр бары биир таҥастаах этибит. Уолаттар фуражкалаах, курдаах буоларбыт. Чаҕылхай күннээх сассыарда киэргэммит оҕолор, төрөппүттэр оскуола диэки тиэтэйэ-саарайа субуһаллар. Мин ийэбин уонна балтыбын кытта бастакы кылааска киирэ баран иһэбин. Тулабар сып-сырдык, от-мас суугуна, чыычаах ырыата, күн сыралҕана – барыта баара, үөрэнэ киирбиппэр туох барыта үөрбүт быһыылааҕа. Учууталым Валентина Семеновна Корякина (Ноговицына) диэн олохтоох эдэркээн кыыс. Кылааспытыгар төрдүөйэхпит. Биир эрэ кыыстаахпыт. Аҕыйах буоламмыт, биир хоско иккилии кылаас үөрэнэр. Күн аайы, сороҕор хастыыта да ыйытыллабыт, ол иһин билиибит чиҥ. Иккини ыллаххына, оскуола бүтүннүү буолуохтааҕар, кырачаан Төбүлэх бүтүннүү билэр буоллаҕа, бэл ыт үрэрэ кытта «икки-икки» диэх курдук иһиллэр. Оскуолаҕа үөрэнэр үчүгэйэ сүрдээх, күн аайы тугу эрэ саҥаны-сонуну билэҕин. Мин ойуулааһыҥҥа, ыраастык суруйууга, ырыаҕа күннүүбүн. Уһун переменаҕа аһаталлар. Арай биир оннук аһылыкка ким эрэ ытаан сыҥырҕаата. Соһуйуу бөҕө буоллубут, үөһээ кылаас уола аһаабакка эрэ ытыы олорор. Мин кинини аһынан эмиэ сүгүн аһаабатым.
Хата, уолу ким да кырбаабатах, атаҕастаабатах, уруогар иккини ылбытыттан хомойон ытаахтаабыт. Оскуолаттан аччыктаан ахан кэлэн аһыыр үчүгэй баҕайы. Аһаат да, эмиэ үөрэниэх санааҥ кэлэр. Иккис кылааска үөрэнэрбитигэр учууталынан Мария Петровна Прокопьева диэн Таатта кыыһа кэлбитэ. Саҥа учууталы бары сөбүлээбиппит. Мин, аһары баран, таптаабытым даҕаны диэххэ сөп. Кимиэхэ эмит олус болҕомтотун уурдаҕына күнүүлүүрүм. Хайҕанаары үөрэхпин аһары кичэйэрим. Болҕомтотун тардаары сороҕор мэнигилиирим. Мария Петровна пионерскай хаалтыстаах, маҥан куопталаах, хойуу, уһун баттаҕын кэтэҕэр эриммит, сырдыктыҥы харахтардаах мөссүөнэ өйбөр олорон хаалбыт. Нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар барытыгар кыттара. Кини миигин уонна Розаны иккис кылааска пионерга киллэрбитэ. Дьиҥэр үһүстэн эрэ ылаллара. Сороҕор киэһэ кыраһыын лаампатынан пионерскай сбордар бараллара. Ол бэйэтэ умнуллубат кэрэ түгэннэр буоллахтара. Баһаатайынан Мария Петровна бэйэтэ этэ. Дойду ситиһиилэрэ биһигини кынаттыыра. Гагарин космоска көппүтүн кэннэ, космонавт буолуон баҕалаах элбэх быһыылааҕа. Учууталым билигин Таатта Чымынаайытыгар олорор, үлэлиир. Арассыыйа үтүөлээх учуутала. Манна даҕатан эттэххэ учууталларга табыллыбыт урааҥхайбын. Миигин өссө биир Арассыыйа ааттааҕа Валентина Васильевна Жиркова үөрэппитэ, ииппитэ. Ити биллиилээхтэрэ эрэ, биллибэт биричиинэлэринэн улахан чыыҥҥа-хааҥҥа, наҕараадаҕа тиксибэтэх, ол эрээри талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээх, оҕо аймах ытыктабылын, билиниитин ылбыт үөрэтээччи элбэх буоллаҕа. Учууталлар барахсаттарга үөрэппит оҕолоро, син төрөппүт оҕолорун кэриэтэ буоллахпыт, өр сылларга үлэлээбит үлэлэрин кэрэһиттэрэ буолан сырыттахпыт: ким учуутал эрэлин толорон, аатын ааттатан, мин үорэнээччим, кини үөрэнээччитэ, сорохтор, арба да маннык оҕо баара, ким эрэ төттөрүтүн, ама, бу киһийдэҕи үөрэппитим буолуо дуо дэтэн. Мин биир ытыктыыр нуучча доҕорум, таҥара үөрэҕин туһунан уруһуйугар улахан аартык, чаҕылыччы тыкпыт күн (таҥара) диэки тыргыллар, бэттэх эдэр киһини суолга киллэрэн, улахан айаҥҥа аттаныан иннинэ, кырдьаҕас киһи үөрэтэ-такайа, алгыы турар. Улахан аартык икки өттүнэн ыллыктар туора-маары бараллар, олор итирэн баран охсуһа-өлөрсө сылдьар дьоҥҥо, чэпчэки дьахталларга, саарбах соҕус баайга-дуолга, сэриилэргэ, өлөрсүүгэ-өһөрсүүгэ, көр-нар олоххо тиэрдэллэрэ көстөр. Мин ити ойууну көрө туран, иитээччилэри, учууталлары, төрөппүттэри киһини олох киэҥ аартыгар, билии-көрүү өйүөлээн, манан айаннааҥ диэн, алҕаан ыытар сырдык дьоҥҥо холообутум. Иккис кылааска үөрэнэрбитигэр, оройуон кииниттэн элбэх оҕону аҕалан, интэринээккэ олордон үөрэппиттэрэ. Ол быыһыгар, туспа бөһүөлэктэнэн олорор геологтар оҕолоро эмиэ бааллара. Оҕо оҕону атаҕастаабата, баттаабата. Табах, арыгы диэн өйбүтүгэр да суоҕа. Арай мэник, үөннээх оҕолор баар буолаллара. Биир үөһээ кылааска үөрэнэр уол, биһигини эркин сууллаары гыммыт диэн, өйөттөрөн баран, бэйэтэ учуутал киирэригэр: «Бу дьон эркиммитин сууһаары гыннылар»,- диэн бэйэбитин буруйдатара. Кыһын үөрэхпит кэннэ сүрүн дьарыкпыт: мас-муус киллэрии, кинигэ ааҕыыта буолара. Уһун сынньалаҥнарга оройуон кииниттэн убайдарбыт, эдьиийдэрбит кэлэннэр, оҕо-уруу элбээн, бөһүөлэкпит сэргэхсийэ түһэрэ. Биирдэ киинэҕэ биир нуучча уола «сало» диэн аһы илдьэ кэлбит. Киинэҕэ эрэ көрөр, хаһан да амсайбатах аһым. Ымсыыран бөҕө буоллум, киинэбин да көрбөккө бэриһиннэрэ сатаатым да, киһим ол курдук көрдөрбүтүнэн бэйэтэ сиэн кэбистэ. Түмүгэр киһибин ытаттым. Өлүү түбэлтэлээх киинэбит бүтэн хаалла. Уолум хаһытыы-хаһытыы ытыыр киһи буолан биэрдэ. Ытааччы ийэтэ, мин дьонум бары сүүрэн кэллилэр. Мин аһыттан бэрсибэтин иһин кырбаатым диэхпин тутуннум, онон борустуой «күлүгээн» быһыытынан таһыллан хааллым. Кэлин ол ымсыырбыт аһым, баара суоҕа сибиинньэ сыата эрэ буолан хаалан соһуппуттаах. Ону билтим буоллар былдьаһан да бэрт. Иккис кылааһы бүтэрэрбэр үчүгэй үөрэҕим, бэрээдэгим иһин оройуон киинигэр пионерскай лааҕырга сынньаммытым. Онно Индигир умнаһын үс оройуонун оҕолоро кэлбиттэрэ. Мин эрдэ кэлбит буоламмын, бастаан Хонууга онтон Соболооҕунан аймахтарбынан сылдьыбытым. Соболооҕу сөбүлээбитим. Хайдах эрэ дьоно-сэргэтэ Төбүлэхпин санаппыттара. Биирдэ Хонуу уолаттарыгар түбэстим. Кырбаабатылар гынан баран, дэлби өттөйдүлэр. Биир бэйэм саастыыта уолу өйдөөн хааллым. Хас эмэ хонон баран, кимниин эрэ, ханнык эрэ хонтуораҕа сылдьан, ол уол элэстэнэн иһэрин түннүгүнэн көрөн, ыскаап кэннигэр саһан туран соһутан «иэстэстим». Ол сайын элбэх доҕордоммутум. Ол эрээри, оҕо сааспар арыгылааһын буортутун-алдьатыытын туһунан суруйдахпына эрэ табыллар. Улахан дьон, билигин санаатахха, син иһэрин иһэллэр эбит буолан баран, биһиэхэ биллэрбэт буола сатыыллар этэ да, кулгаахпыт истэрэ чуора, харахпыт көрөрө сытыыта... Почтаҕа мэхээнньиктээбит, биһиги Кыбаах диэн ааттыыр киһибит «нуучча бөһүөлэгэр» арыгыттан умайан өлбүт үһү диэни истибиппит. Биир аймахпыт иһэ сылдьан илиитин тарбахтарын үлүтэн быстарбыта. Арыгылааһын кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына элбиирэ. Биирдэ биһигини кытта үөрэнэр нуучча кыыһын аҕата, иэдэһин быһа оҕустаран, «нуучча бөһүөлэгин» диэки куотан эрэрин көрбүппүт. Кэнниттэн итирик сахалар эккирэппиттэрэ. Хомойуох иһин, нуучча киһитэ өйдөөх этэ. Оччолорго, оҕочоос мэйиибэр бэйэм төрөөбүт омукпуттан кыбыстыы маҥнайгы кыыма охсуллан ааспыта. Ыаллаһа сытар көмүстээх Өймөкөөн нөҥүө, арыгы дьалхаана, Төбүлэхпин бастакынан хаарыйбыт быһыылааҕа. Көмүс уонна арыгы, арыгы уонна нууччалар. Балар, мин оҕотук өйдөбүлбэр, хайдах эрэ арахсыспат аргыстар курдук иҥэн хаалбыттара. Харыстаан буоллаҕа буолуо, арыгылааһыны кытта сыһыаннааҕы оҕо истэригэр кэпсээбэт эбиттэр. Онон арыгы туох эрэ куһаҕаннаах эбит диэн, чопчу билбэтэрбит да, чаҕыйа улааппыппыт. Аны оччотооҕу киинэлэрбитигэр арыгы рекламата, билиҥҥи курдук аһаҕастык да буолбатар, баар этэ. Оҕо арыгылыыра диэн, кэпсииллэриттэн иһиттэххэ, арай оройуон киинигэр эрэ баара. Оҕо сааһым доҕотторо барахсаттар, бары да арыгылааһынтан сылтаан олохпут огдолуйаахтаатаҕа буолуо. Ким санаабыта баарай, оҕо саас бүтэрин, ийэ-аҕа бу дойдуга букатыннаахтыы кэлбэттэрин, көр-нар олох төлөбүрдээх буоларын, өлүү-сүтүү, кырдьыы диэннэр баалларын. Доҕорум Юра, кэлин, арыгылаан буруйу оҥорон, хаста эмит хаайыыга олорон, ол дойдуттан сэллик ыарыы буолан, эдэр сааһыгар бу дойдуттан арахсыбыта. Оттон арыгылааһынтан сылтаан суорума суолламмыт, илиитин-атаҕын үлүппүт, кэлиэкэ буолбут, бэйэтэ, кэргэнэ, оҕолоро буор иһээччи буолуталаабыт, арахсыбыт-үүрүллүбүт диэн элбэх буолаахтаатаҕа. Киһи барахсан, ордук эдэр-сэнэх эрдэҕинэ, бу орто дойдуга букатын кэлбит курдук сананара ханна бараахтыай? Дьиҥэр, сүүс да сыл олорор буоллахха, бу сирдээҕи олоххо кылгас кэм, кэрчик эрэ буолаахтаатаҕа. Дьэ онтубутун кыайан, киһилии сатаан олорбокко иэдэйээхтиибит.
Арай өйдөөхтөрүгэр киһи-киһи курдук дьон, арыгы истэхтэринэ, олох уларыйалларын олус дьиибэргиирим: сирэйдэрэ-харахтара туран хаалбыт буолара, эбэтэр сыыҥтарын-сырааннарын сынньылыта сылдьан, сыллаары гыннахтарына, сиргэнэн куотар буоларым.. Аҕыйах тыл маатыры туһунан: билиҥҥи оҕолуун-дьахтардыын маата суох саҥарбат буолбут кэмнэригэр тэҥнээтэххэ, улахан дьоммут мааттаабат буолан буоллаҕа буолуо, биһиги олох маатырылаабат эбиппит. Биирдэ ийэм убайбын үөҕүстүҥ диэн мөхпүтүгэр, убайым «ёлки-палки» диэн үөхсүү буолбатах диэн быһаара сатыырын өйдүүбүн. Бытааннык да буоллар, саҥа сиргэ үөрэнэн испитим. Оскуолабар саҥа доҕор-атас элбээбитэ. Уһун сынньалаҥы Төбүлэпин санатар Соболооххо, аймахтарбар баран атаарабын. Саҥа дьыл бырааһынньыгар, улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьабыт, ким да үүрбэт-үтүрүйбэт, бэйэҥ-бэйэҕэр сылдьаҕын. Дойдум оҕолоруттан тэйэ быһыытыйбытым. Биирдэ доҕорум Юрка, үҥкүү кэмигэр, иһэн баран, иччитэх кылааска ыҥыран киллэрэн: «Изменник Родины»,- диэн, нэһилиэккин таҥнардыҥ диэн буоллаҕа буолуо, кырбаары чиччигинэппитин, түбэһэ оскуола завхоһа дьахтар киирэн быыһаабыта. Ол, бэйэм да дойдубун ахтан буорайа сылдьар киһиэхэ кыһыыта сүрдээх этэ. Сайынын онно-манна үлэлии сатыыр этибит. Коммунальнайга сиппиир быһан, баайан үстүү солкуобайы ылбыппытын өйдүүбүн. Кирпииччэ үктээһинигэр эмиэ үлэлиир этибит. Биир сайын Колымторг ыскылаатыгар баржанан кэлбит табаар сортировкатыгар сылдьыбыппыт. Кэнсиэрбэлэри сыымайдыыр этибит. Онно «пьянай баржаны» сүөкүү сылдьар дьон итирэллэрин-кутуралларын эт харахпытынан көрөрбүт. Арыгылаах дьааһыгы соруйан үлтү түһэрэн баран, арыгытын сүүрдэн ылаллара. Массыынанан тиэйэн иһэн бытыыккалары онно-манна тамныыллара. Хата, кинилэр киэннэрэ алдьаммата бэрт. Үлэлэрин кэнниттэн, бырахпыт бытыыккаларын көрдөөн булалларын сөҕөбүн. Тохсус кылааһы бүтэрэрбэр, оскуоланы бүтэрбит тастыҥ убайым доҕорунаан, бөһүөлэк таһыгар тахсан, ол событиены «сууйдубут». Туох эрэ, бадаҕа «Солнцедар» диэн быһыылааҕа, түөрт-биэс бытыыккалаах этибит. Туох сокууската кэлиэй: куолайыттан өрүсүһэ-өрүсүһэ киллиргэттибит. Бастаан мин хоттордум. Арааһы саныы-саныы (өлбүт убайбын Сиэнньэни эҥин) ытаа да ытаа. Дьонум ыксаан телогрейканан бүрүйэ-бүрүйэ утута сатаатылар да, утуйан да бэрт: миигин сэниигит эҥин диэн баайсан аны охсуһаары чиччигинэстим. Онтон бэрт сотору, чөл этим-сииним ылыммакка, хотуолуур айдааҥҥа түстүм. Дьиэбэр хайдах илдьибиттэрэ буолла, нөҥүө күнүгэр, уу иһэн киллиргэтэ-киллиргэтэ, оронтон турбакка сыттым. Туалекка тахсан харахтарым быччайан тахсыахтарыгар диэри хотуолуубун. Ийэм испиппин билэрин билбитэ буолан баран, аҕабар тугу да биллэрбэтэҕэ. Дьэ «улахан уол» буоламмын, арыгы иһэн «абыранным» аҕай. Туох үчүгэйдээҕин сөбүлүүллэрэ буолла? Аны иһэн быстар үһүбүөн… Ол эрээри, ити бастакы иһиим кэнниттэн, бэйэм бэйэбэр биэрбит «андаҕарым» кэлин хаста-хаста хатыламмытын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Оскуолаҕа биир кэмҥэ үөрэммит доҕотторум-атастарым барахсаттар, ол кэмнэрдээҕи хаартыскалары көрө олорон, санаатахха-аҕыннахха, арыгылааһын содулуттан суох буолбуттара, эмсэҕэлээбиттэрэ аата-ахса суоҕа киһини дьиксиннэрэр. Аата хайдах, ким да сэрэппэтэх-бопсубатах эбитэй диэн абаланан кыланыах санаам кэлэр. Сорохтор, киһи кыһыйыах, урукку арыгы ордук этэ дииллэр. Кырдьаҕастар кэпсээннэинэн, Муоманы хайдах арыгы булуоҕуттан өлүү-сүтүү, оһол-төрүөт саҕаламмыт. Оччолорго, балыыһаҕа үлэлээбит кырдьаҕастар туоһулааһыннарыан, оройуоммут хаһыатыгар суруллубутунан, историябытыгар да биллэринэн арыгылаан баран өлөрсүү, умайыы, үлүйүү, ууга түһүү, бэйэҕэ тиийинии баар эбит. Онон урукку арыгы ордук этэ диир кыахпыт суох. Бу тухары сэрэхэдийбэтэхтэрэ, ытырыктаппатахтара, инникини көрбөтөхтөрө, санаабатахтара сүрдээх эбит.
image image image
Иккис түһүмэх.
Мин сэбиэскэй саллааппын.
image
Күндү ааҕааччыам, бу түһүмэххэ мин төрөөбүт-үөскээбит түөлбэбиттэн тэйэн, атын омуктар ортолоругар сылдьыбытым туһунан кэпсэнэр. #КонкурсДМБ2016.
Бу кэпсэнэр кэмҥэ, биһиги дойдубут Сэбиэскэй Сойуус сайда сатаан баран, билиҥҥилэр этэллэринэн, «улугураары» турар кэмэ этэ. Туох да омуна-төлөнө суох, ол саҕана, дойдубут туһугар ууга-уокка киирэргэ, өлөргө-тиллэргэ бэлэм этибит. Атын дойдуга сылдьар кэмҥэр, атын омуктар, эн омуккун эйигинэн оҥорон көрөллөрө. Бииргэ сулууспалаабыт омуктарбар биир бэйэм саха омугу, оттон сулууспалаабыт сирим омуктарыгар ньиэмэстэргэ, бүтүн Сойууһу тыктаран көрдөрөрүм. Онон эппиэтинэһэ сүрдээх улахан этэ. Күһүн мин Аллараа Тирэхтээх диэки убайым Оппуонньалыын куобахтыы сылдьабыт. Бу сырыы, миигин иһэр-аһыыр доҕотторбуттан тэйитэр кистэлэҥ сыаллааҕа. Биир күһүҥҥү киэһэ «чэпчээн» баран кулууп дьиэттэн тахсан истэхпитинэ, биир эмиэ бэйэбит курдук сордоох кэлэн испиискэ көрдөөччү буолла. «Хайа, ноо, биһиги бэйэбит «испиискэ» көрдүөхтээх (баайсыахтаах) этибит буолбатах дуо? Бу хантан кэлбит, туох «наглай» киһитэй?» Бэйэбиттэн балыс уолаттары батыһыннара сылдьарым. Олорго киэптии таарыйа, маннык саайаллар диэн, испиискэ көрдөһөөччүнү биирдэ дайбаан баран ааһа турдум. Уолаттарым, «улаханнарыттан» хаалсымаары, суулла сытар киһини тэбиэлээн кулупаайдаан бардылар. Охто сытар киһини тэбиэлиир оччолорго соччо биһирэммэт этэ, оннук киһини мөлтөҕүнэн ааҕаллара. Мин уолаттарбын: «Барыахайыҥ!»- диэн ыҥыра сатаан баран, төннөммүн, саҕаларыттан соһуталаан арааран баран, «кыайбыт-хоппут» дьон быһыытынан, бара турдубут. Нөҥүө күнүгэр биир милииссийэ кэлэн үҥкүүттэн миигин отделга илдьэ барда. Буруйбун кистии барбакка «геройдуу» тута билинним. Төһө да испэр «кинилэр тэбиэлээн эбиискэлэспэтэхтэрэ буоллар, бу дьыала маннык дарбаана суох буолуо этэ» диэтэрбин, уолаттарбын этэн биэрбэтэҕим. Дьыаланы «итиитигэр» суһаллык арыйан, астынан хаалбыт милииссийэ үлэһитэ камераҕа киллэрэн хатаан халыгыратан кэбистэ. Кырбаммыт сордоох мэйиитэ доргуйан балыыһаланаахтаабыт. Оччотооҕу милииссийэр дьоҥҥо-сэргэҕэ чугас турар буолан, ааҕан-суоттаан, ырыҥалаан көрөн, чопчу миэхэ тахсыбыттара. Бу иннигэр, биир атаспынаан кэлии омуктары кытта охсуһан, бу дьиэлэригэр эмиэ киирэн «сынньанан» тахсыбытым. Онно «бэйэлэрэ саҕалаабыттара» диэн куотуммутум. Бу сырыыга, «бэйэтэ саҕалаабыта» диэн, киһини кырбыы сылдьар сатаммат диэн өйдөтө сатаабыттара да, эдэрим бэрт буолан ситэ өйдөөбөтөҕүм. Ол гынан баран, КПЗ (камера предварительного заключения) диэн сирдэрин эппинэн-хааммынан, өйбүнэн-санаабынан даҕаны кыайан уйбат сирим этэ. Бастаан түбэстэхпинэ, итирик эбэтэр испит буоллахпына, арыгым чаана тахсыар диэри киэбирэрим, бэрдимсийэрим. Онтон «өлөн» түһэр этим. Дьыала оҥоһуллан сууттанаары, халыҥ аймахтарбын ууга-уокка түһэрбитим. Бу санаатахха, буойар-хаайар аҕата суох хаалбытым таайдаҕа. Акаары санаабар, улахан киһи буоллаҕым буолан, үүнэ-тэһиитэ суох барбытым. Ийэм тылын истибэт этим. «Бэйэм билэбин» диэн тыллаһарым. Үҥкүүнү, көрү-нары көтүппэппин. Дьонум барахсаттар: ийэм, эдьиий Лиинэ, аҕам быраата, мааҕы бэйэлээх уоллара хаайыы дойдуланаары ыксаан, быраастарынан, военкоматынан, суутунан сүүрүү-көтүү бөҕө буолаахтаатылар. Бэрик да баар быһыылааҕа: военком миэхэ ыалдьан аххан биэрбитэ. Мин акаары ону, аармыйаҕа миигинэ суох сатамматтар эбит диэх курдук санаабытым. Милииссийэттэн таһааралларыгар, доруобуйаҕынан сыыйыллан хааллаххына, сууттанаҕын диэн таһаартара. Аймах халыҥа-өҥнөөҕө быһаардаҕа буолуо, аармыйалыыр буолтум. Аармыйаҕа барыахтааҕым быһыытынан үлэлээбэппин. Тугу гыныамый, күнүскү аһылыкка диэри утуйа-утуйа, түүннэри илээччийэбин. Бииргэ үөрэммит уолаттарым ким аармыйаҕа, ким үөрэххэ сылдьар буоланнар атын уолаттары кытта бодоруһабын. Хата ону, тута кэриэтэ, миигин тыаҕа утаарбыттара. Тыаҕа үчүгэйэ сүрдээх да, көҥүл илээччийэрбин суохтаан бөҕө. Киэһэ утуйаары сытан спидоланан сөбүлүүр ВИА-ларбын истэн тыыммын таһаарабын. «Самоцветтар» «Школьные года»-ларын араас тыас-уус ортотуттан истэ-истэ оскуолабын ахтан бөҕө. Били, тиһэх кылаастарга, хаһан эрэ оскуоланы бүтэрэбит дэһэрбитин санаатахпына, сонньуйабын эрэ. Бу «улахан» киһи олоҕо диэннэрэ соччо бэрдэ суох эбит. Барыта «көҥүл», тугу баҕараргын гынагын дии сананыллара. Бу кэриэтин оскуолабар сылдьарым быдан ордук. Уруоктаргын биллиҥ да, бүтүүтэ буоллаҕа. Сороҕор чүмэчи уотунан кинигэ ааҕабын, онтубун убайбынаан ырытабыт. Куобах бөҕөтүн охтордубут. Киһи диэн сороҕор хараҕа туолбат да буолар быһыылаах. Иккиэйэх бэйэбитигэр икки сүүстэн тахса куобахтаахпыт, ол үрдүнэн салгыы бултуубут. Биирдэ убайым сыыр эниэтигэр саһан турар үүтээни көрдөрбүтэ. Анаан ыйбатаҕа буоллар, көрбөккө ааһыа эбиппин. Бандьыыт Кыдамаалап (Порфирий Коновалов – аҕабыыт, сэбиэскэй версиянан, хоту үрүҥнэр хамсааһыннарын биир сүрүн тэрийээччи) кыһыллартан хорҕойбут ордуута үһү. Иһин киирэн көрүөх баар этэ да, хомсомуол киһи ол бандьыыт, аҕабыыт өтөҕүн кэрийэ оонньуу сылдьыам этэ дуо? Ол курдук кэнэн дууһалар этибит, биһиги сэттэ уонус сыллар оҕолоро. Саатар, аҕабыыт икки, бандьыыт иккини дьүөрэлэһиннэрбиппит да баар, икки утарыта турар өйдөбүллэри. Билигин санаан сөҕөбүн эрэ. Кэлин тоҕуһуонус сыллар ортолорун диэки туох эрэ докумуоннары (арааска, архыып киэннэрэ быһыылааҕа) түбэһэн көрүтэлиирбэр, бу аҕабыыт тутулларыгар ньэҥниир уопуһа баар этэ. Онно улахан «баайтан» биир саһыл тириитэ, биир тутааҕа суох фарфоровай чааскы эрэ баалларын өйдөөн хаалбыппын. Баайын кистэммит буолуон сөп да, бу түбэлтэ миигин улахан санааҕа түһэрбитэ: хайдах маннык дьадаҥы аҕабыыт, бандьыыт баар буолуон сөбүй? Тугун харыһыйан өлөргө-тиллэргэ кирээхтээбитин кыайан өйдөөбөтөҕүм. Идеялара күүстээх буолуо дуо? Билигин ол докумуону көрдүүбүн да көстүөх быһыыта суох. Биирдэ суолга, миигин кытта атын кылааска үөрэммит, сылгыһыттыы сылдьар уолу көрүстүбүт. Миэхэ илдьит ыыппыттар: кэлэ оҕустун, аармыйалыыр буолла диэн. Куобахтарбытын суортан-тураахтан, сиэмэх кыыллартан күрэтэн араҥастаан баран, Хонууга сатыы барбыппыт. Тиийээт арыгыга оройбунан түстэҕим дии.
Барар күммүтүгэр портка Хонуу барыта баар этэ. Биһигини, ааттарын билбэт буола итирбит, Ийэ дойду «көмүскээччилэрин», онтон-мантан хомуйан, сөмөлүөт иһигэр мал курдук хаалаан ыытан, дьоммут барахсаттар дьэ «һуу» диэтэхтэрэ. Хонуубут барахсан, аны икки сылынан көрсүөххэ диэри!.. Оччолорго аармыйаҕа барбыт иитиллэригэр, киһи буоларыгар, олоххо суолун буларыгар мас-таас курдук эрэнэллэрэ. Аармыйаҕа кими да кэлиэкэ оҥорботторо, өлөрбөттөрө-өһөрбөттөрө.
Уус-Ньараҕа «Индигирка» гостиницаҕа хас да хоннубут. Дьэ дэлэй пиибэлээх, арыгылаах, ким да буойбат-хаайбат сиригэр тиийбит дьон көрүлээтэхпит. Ол гынан баран, төрөөбүт дьиэбититтэн улаханнык тэйбэтэх дьон, Муомабытыгар курдук наһаа кэбилэммэппит. Хайа уонна «байыаннайдар» туомалара буоллахпыт дии. Уолаттар баттахтарын күлтэччи сүлэн кээстилэр. Миигин, дьэбириэй оҕонньоро парикмахер, маннык айылҕа бэлэҕин кырыйбаппын, илиим алдьаныа, антах да кырыйыахтара диэн кырыйбата. Мин хайдах маннык баттаҕы тоҕо харыһыйарын өйдөөбөтүм: куруук көпсөйө сылдьар, сытан испэт баттах баар дии. Гостиница үлэһиттэрэ наһаа иһимэҥ-аһаамаҥ диэн сэрэппиттэрэ. Ол быыһыгар: «Өймөкөөннөрдөөҕөр бэрээдэхтээх эбиккит»,- диэн киһиргэттилэр. Бары биир хоско баарбыт. Биирдэ уолаттар киирэн: «Саха кыыһа баар эбит, гостиницабытыгар»,- диэтилэр. Ньара оччолорго нууччата элбэҕэ бэрт буолан, биһиги нуучча сиригэр сылдьар курдук сананарбыт. Баран билсиэххэ диэн буолла. Мин бардым. Чугаһаан баран билбитим, Томторго олорор, учууталлыыр, бэйэлээх бэйэм эдьиийим Старкова Варя буолан хаалла. Балайда уһуннук кэпсэттибит. Уолаттар тулуйбакка төттөрү-таары сүөдэҥнэһэллэр, мин диэки кынчарыйан ылаллар. Кэпсэтии быһыытынан, мин бастаан билсэн баран, кинилэри ыҥыран эмиэ билсиһиннэриэхтээҕим. Мин уолаттарбар: «Ситинник билсэр баҕайыта»,- диэн киэптээн аххан тиийдэҕим дии. Онтон: «Оонньоон эттим, эдьиийим эбит»,- диэбиппэр, сиргэ силлээтилэр: «Сордоох да киһигин, дьээбэлэммэккэ сүгүн да сылдьыбаккын»,- диэтилэр. Сотору сөмөлүөтүнэн Дьокуускайдаатыбыт. Куоракка «Маяк» пионерлааҕырыгар олохтоотулар. Дьиэбититтэн-уоппутуттан тэйбиппит, ийэ-аҕа бэлэмэ суох сиргэ тиийбиппит биллиэх курдук буолан барда. Уһуннук арыгылаабыппыт эмиэ таайда. Биир нэһилиэктэн сылдьар уолбут охтон түһэн, устунан таттаран уйулҕабытын хамсатта. (Инники түһэн эттэххэ, бу уол, аармыйа кэнниттэн иһэ-аһыы сылдьан тоҥон өлөөхтөөбүтэ). «Скорайданныбыт» эҥин. Кэлэн үөҕэн-мөҕөн, «көрөн-истэн» бараахтаатылар. Ол кэннэ бары да саҥабытыттан-иҥэбититтэн маттыбыт. Ас суох. Баара да буоллар киирэрэ биллибэт. Утуйуохпутун уубут кэлбэт. Тас таҥастыын байдыын, хороччу олорбутунан хонобут. Түүн үөһэ аны куорат нууччалара «Бей якутов!» диэн сарылаһан, түрүлүөн бөҕө буола сырытта. Эппиһиэрдэр баар буолан иирээни таһаарбатылар. Сарсыарда туруоран, таһырдьа турар остуолларга туох эрэ хааһытын кытта, чээй биэрдилэр да, онтукайдара айахха киирэрин саҕана, тоҥон хаалан, киһи аһаабыта-аһаабатаҕа биллибэт үлүгэрэ. «Туох үлүгэрдээх сиригэр кэллибит»,- диэн эрдэхпитинэ, хата, «атыылаһааччылар» (призывниктар хамаандаларын чаастарга дылы арыаллааччылар) кэлэн миигин кытта биир уолу илдьэ бардылар. «Атыылаһааччыбыт» халлаан күөҕэ погоннаах, летчик быһыылаах. Мин моряк буолуохпун баҕарар этим. Ону: «Доҕорум Коля баҕарар лётчиктарыгар илдьээри гыннылар дуу, үөдэн дуу? Чэ буоллун даҕаны. Бу лааҕыртан эрэ түргэнник тэскилиэххэ. Хата, уолаттарбыт манна наһаа уһаабаттара буоллар»,- диэн баҕара санаабытым да, кэлин истибитим, сорохтор бу лааҕырга ыйтан ордук сыппыттар үһү.
Сөмөлүөккэ утуйан абыранныбыт. Красноярскайга тиийэн туһэрбитигэр үөһэттэн аатырар Красноярскай ГЭС-рин көрдүбүт. Дойдубут биир сөҕүмэр тутуутун көрөн испэр киэн тутта санаатым. Бу дойдуга ардах түһэн курулата турар эбит. Онуоха буоллаҕына биһиги сорох уолаттарбыт хаатыҥканан бэллэйдии сылдьаллара. Сорохпут таҥастарын: кыһыҥҥы соннорун, бэргэһэлэрин, атах таҥастарын олохтоохтор эргэҕэ атастаһан, эбии харчы сыыһын, үксүгэр арыгы биэрэллэр. Биһиги таҥаспыт үчүгэй этэ: оччотооҕуга «муодунай» бараан истээх курка, котик бэргэһэ. Олохтоохтор да эргинэ үөрэммиттэр быһыылаах, анаан киирэн Саха сириттэн кэлэр самолету көрсөллөр эбит. Новосибирскайтан ыла тимир суолунан бардыбыт. Урут, киинэҕэ эрэ көстөр поезд диэннэрэ барахсан, кырдьык да аатырыан аатырар көлө эбит. Эчи улаханын, уһунун, түргэнин! Түннүгүнэн хоту дойду уолугар өтөр наар умнуллубат дьикти көстүүлэр, дойду үрдүнэн бара турар сайдыы кэрчиктэрэ, киинэ курдук биир-биир субуллан истилэр. Киһи көрдөр-көрөн олоруох курдук. Кырдьык да улахан сайдыылаах сиргэ олорор эбиппит диэн киэн туттуу иэйиитэ үөскүүр. Биһиги хамаандабыт сорҕото, «атыылаһааччы» хараҕа барыбытыгар тиийбэтинэн сибээстээн, харчы бырахсан, арыгылаан, суолу кылгатан эрэллэр эбит. Чэ, арыгылаатыннар, сорох онто да суох сөп буолан иһэр. Кинилэр биир Кавказ киһитиниин булсубуттар. Өссө икки саллааттаахтар. Кавказ киһитэ ырыата- тойуга сүрдээх. Тугу да диэтэххэ, барбах ырыа тылларынан эрэ эппиэттиир, хата, киниэхэ табыллара да бэрт. Түүн биһиги хамаандабытын ыҥырар хаһыы иһиллибитигэр, ким ханна утуйа сыппытынан ойон туруу буолла. Онтубут, били кавказецпытыгар ким эрэ хамаандабыт нүөмэрин этэн биэрбит. Бу киһибит, били икки саллааты кытта иирсэн турбут уонна биһиэннэрин көмөҕө ыҥырбыт. Били көрдөөх-нардаах киһибит олус дьиикэй киһи эбит. Бары көрөн турдахпытына, вагон купетын үөһээ полкаларыгар ыстанан тахсан, тоҥоноҕунан тирэнэ-тирэнэ, били саллааттары тэбиэлээн кэбилээтэ. Киһибит, поезпыт ханнык эрэ станцияҕа тохтоон, милииссийэлэр илдьэ барыахтарыгар диэри айбардаата. Мин санаам улаханнык түстэ: сэбиэскэй саллааттар итирик аайы кырбаттараллара диэн иэдээн, саатахха иккиэ буолан баран. Кэлин олоҕу билэн-көрөн баран санаатахха, кавказецпыт билиҥҥинэн «авторитет» эбит, оттон саллааттар эрэйдээхтэр кыһыл погоннаах этилэрэ (внутренние войска), хаайыылаахтары харабыллыыр эҥин буоллахтара, буруйдара, бука, ол буоллаҕа. Икки утарыта күүстэр бииргэ арыгылааһын түмүгэр ииристэхтэрэ. Оччотооҕуга дьиэттэн тэйбэтэх, Сэбиэскэй Сойууһу таҥара эрэ гынан үҥпэтэх, эбиитин саллааттыы баран иһэр тыа оҕотугар, бу дьулаан хартыына этэ. Эмиэ бу саллааттар курдук кырбана сылдьыах муҥмут буоллаҕа дуу? Социализм сайдыбыт дойдутугар итинник быһыы-майгы суох буолуохтаах этэ. Кинигэҕэ суруллубуттан, киинэҕэ көрөрбүтүттэн ураты, быһыыта, атын олох баар эбит. Барыта эриэ-дэхси, үүт-тураан буолбатах быһыылаах. Дьэ буоллаҕа! Саратов куорат. Поезтан түһэрэн стройдатан ханна эрэ илтилэр. Баанньыктаттылар. Били Ньараҕа дьэбириэй оҕонньоро харыһыйан кырыйбатах баттаҕын, «илиибит алдьаныа» эҥин диэн кымаардаан да көрбөккө, «сүлэн» кээстилэр. Байыаннай таҥас түҥэттилэр: уочаратыҥ кэллэҕинэ, тугу биэрбиттэрин ылан кэтэн иһэҕин. Бастаан бэйэ-бэйэбитин көрө-көрө, күлүс да күлүс. Таҥаспыт размердара араас-араас. Уларыттараары гыммыппыт уларыппаттар. Онтон өйдөнөн бэйэ-бэйэбитин кытта атастаһан син орун-оннугар түспүтэ буоллубут. Сырдаабытыгар аһата илтилэр. Киирэн истэхпитинэ духовой оркестр оонньоон тоҕо барда. Аныгы мелодиялары оонньуур буолан астынныбыт. Аһылыктара да үчүгэй буолан биэрдэ. Бичиэнньэ, дьаабылыка биэрэллэр эбит. Аһатан-сиэтэн баран аны утуттулар. Ыраас таҥаска-сапка, ороҥҥо утуйбатах да ыраатта. Үчүгэйиин. Киэһэлик туран дьиэбитигэр сурук эҥин суруйан ыыттыбыт. «Барыта үчүгэй, музыкалаах эҥиннээх, ис хайдарынан аһаталлар, эбиэттэтэн баран утуталлар, киһи эрэ сулууспалыыһык»,- диэн суруйдахпыт дии.. Хонууга күһүҥҥү киэһэҕэ «танцы» бөҕө буола турар. Самоцветтар «Вербалара» тыаһаабытыгар эркин тула кэчигирээн турар ыччаттар өрө эккирии түһэллэр. Үҥкүүлүүр саастара ааспыт хас да дьахтар сэмээр аҕай ким кимниин үҥкүүлүүрүн, иҥээҥниирин ырыталлар, сэлэһэллэр. Мин соторутааҕыта билсибит кыыһым оскуола оҕото буолан, үҥкүүгэ киллэрбэттэр, онон кимниин үҥкүүлүөх бэйэбиний диэн дьон үрдүнэн олоотуу турдахпына, биир уол миэхэ чугаһаан кэлэн: «Кыһыллаахпын, тахсыахха»,- диэн сипсийдэ. Мин кини кэнниттэн тахсыһан кулууп ойоҕоһугар турар туалет аттыгар тиийэн, кыһыллаах бытыылкабытын астаатыбыт, киһим куолайыттан куллугурата түһэн баран, бытыылкатын мин диэки уунна уонна кулгаахпар төҥкөйөн хаһыытаан бытарытта: «Рота..а..а подьем!». «Хайа сах буоларый, итирэрэ тугун түргэнэй? Хата сыҥаахха тыаһатыам ээ»,- дии санаан эрдэхпинэ, киһим иккистээн сарылаата. Тугун ханныгын өйдүөм иннигэр, өссө хаһыытаатылар. Уу, утуйа сытар эбиппин дуу! Арба да, армияҕа сылдьар этим дуу, бэдиктэр, муҥ саатар, түүлбэр «кыһылбыттан» иһэрдибэккэ эрэ бэлэһирэн хааллахтарай. Үйэлэригэр алта чааска турбатах, алаадыйан хаалбыт эрэйдээхтэри, зарядкалатан муҥнаатылар. Сарсыардааҥы аһылыкпыт син аҕай да, кэмчи соҕус буолла. Били оркестрбыт эрэ, сах эрэ. Арба да, бэҕэһээ эбиэккэ музыкаланан таҥхаламмымпыт этэ дуу? Эбиэккэ диэри таҥастарбытыгар хлорканан байыаннай билиэттэрбит нүөмэрдэрин суруннубут эҥин. Оркестрбыт эбиэккэ эмиэ мэлийдэ. Аны аһылыкпыт дьаабы буолбут: уу-ньамаан миин, хааһыбыт эмиэ да рис курдук да, ортотунан тыраҕастаах, амтана да ристэн олох атын. Онтубут овсянка диэннэрэ эбит. Били бичиэнньэбит эҥин мэлигир. Онтукайбыт бара, бэҕэһээ сэтинньи 7 күнэ эбит. Бэҕэһээҥҥи аһылыктарбыт, оркестрбыт аармыйаҕа «праздничнай» диэн ааттанар уонна күн аайы буолбат, армейскай сытыы тыллаахтар этэллэринэн нууччалыы «луч света в темном царстве» диэн көстүүлэрэ эбит. Эбиэт кэнниттэн утуйуу бырааһынньык күн, өрөбүллэргэ уонна учебкаҕа эрэ эбиттэр. Астыммыппыт аҕай баара… Саллаат, утуйа да сыттаҕына, сулууспата бара турар буоллаҕа. Аармыйа таайыллыбатах кистэлэҥнэриттэн биирдэстэрэ уугун хамматыҥ буолар: икки сыл тухары, биирдэ да уубун хана утуйбакка кээлтим. Түгэн көһүннэр эрэ: сытан да, олорон да, туран да буоллун, нуктуу түһэн ылаҕын. Туран эрэ диэн алҕас эппэтим. Поска туран, остоолбоҕо курунан тартарынан баран утуйар ыччаттар бааллара. Аны, олох сахсырҕа курдук, минньигэһимсэх буолан хааллыбыт. Саахары түбэстэхпитинэ, кыраан уутун кытта паачканан хачыгыратабыт. Кыра харчыланныбыт да, туох эрэ минньигэһи ылынан, туора харахтан, атын айахтан кистээн кыанабыт. Бастаан утаа киһи сөҕөрө, сүөргүлүүрэ элбэх. Холобура, саллаат түргэнник тура эккирээн таҥнара буоллун даҕаны, оттон түөрт уон биэс сөкүүндэ иһигэр сыгынньахтанан ороҥҥун була охсоруҥ, туохха наадалааҕа буолла? Киэһээ аайы «Отбой!», «Подъем!», «Отбой!», «Подъем!» диэн матайданабыт. Бастаан утаа бары тэҥ саастаах чолоҕордор күлсүү-салсыы бөҕө. Онтон сытарбыт-турарбыт элбээн бардаҕына, ким эрэ бытааныттан хат-хат туруу-сытыы буоларыттан, аны бэйэ-бэйэбитин буруйдаһан, эн бытааҥҥын, мин бытааммын дэһэн киирэн барабыт. Көрүдүөрбүтүн мастика диэнинэн соттороллор. Биирдэ мин муоста аалар таҥаспын өйдөөн көөртүм: «Хайа, доо, бэйэлээх бэйэм ыстааным буута сылдьар дии!» Дойдубар эрдэхпинэ, үҥкүү бөҕөтүгэр сылдьыбыт, кыыс бөҕөтүн атаарсыбыт ыстааным этэ. Туалет кафелын тиис суунар суокканан ыраастыыллар диэни истэр этим да, хайдах эрэ өйбөр кыайан киирбэт этэ. Манна оннугу илэ көрөн, бэйэҥ эккинэн-хааҥҥынан итэҕэйэҕин. Бары бэйэ бэйэбитин билсэн, саҥа олохпутугар син үөрэниэх курдук буолан бардыбыт. Сержаттар да маҥнайгы омуннара ааһа быһыытыйда. Саха Сириттэн түөрт уон биэс этибит. Аҥаарбыт нууччалар уонна бааһынайдар. Дьэ ол дьоммут, антах тиийэн баран, «нууччамсыйан» сахалартан аккаастанар үлүгэргэ түспүттэрэ. «Дьиҥнээх» нууччалар саха «нууччаларын» билиммэккэлэр, сорохтор төннүбүттэрэ да, аны биһиги ылына охсубатахпыт. Бастаан утаа узбектары кытта чугасаһан испиппит. Онтон дьоммут хайдах эрэ улаатымсыйа туттаннар, тэйбиппит. Кинилэри манна «чуркалар» диэн ааттыыллар. Арааска, кинилэргэ эт, төҥүргэскэ эт, син биир өйдүөбэттэрин иһин быһыылаах. Ол оннугар, саҥа доҕордоспут белорустарбыт быдан ордуктар этэ. Аармыйа иннинээҕи хаартыскаларыгар бары, үтүктүспүт курдук, «а ля Мулявин» (Владимир Мулявин диэн сэттэ уонус сылларга аатырбыт «Песняры» ВИА салайааччыта) бытыктаах, хайдах эрэ минньигэс баҕайытык нууччалыыр уолаттар, киһи да быһыытынан, майгыларынан, боростуойдарынан биһиэхэ сөбүлэппиттэрэ. Мин ороммунан дьуккаахтарым бары белорустар этэ. Коля Сазонов диэн уолу кытта ыкса доҕордуубут. Омуктаһыы суоҕун кэриэтэ. Бэйэҥ түһэн биэрбэтиҥ эрэ, омуккар наадыйбаттар. Түһэн биэрдиҥ да, төрөөбүт омуккун бүтүннүү «аатырдаҕын». Уоруйахтары олох сөбүлээбэттэр. Ол да буоллар мыыла, тиис суунар пааста, иннэ-сап, уруучука курдук бытархайдары куруук уораллар. Биир, түүн таҥаһыгар тахсан киирэр уол баарын, сотору соҕус дьиэтигэр утаарбыттара. Дьиэбититтэн сурук кэлэрин күүтэн бөҕө. Ким элбэх суругу тутар диэн куоталаһабыт. Кэлбит суруктары барытын холбуу тутан баран, сурук ахсаанынан муннуга охсор үгэстээхтэр. Сурук ааҕа охсор баҕаттан ону тулуйаргар тиийэҕин. Баһыылка кэллэҕинэ сержаттары күндүлээн баран, ордугун бэйэбит сиибит. Миигин кытта кэлсибит биир дойдулааҕым уол тардыалатан саҥарар буолан эрэйдэннэ. Онто ыгылыйдаҕына бууһа бэргиир. Сержаттар көнньүөрбут кэмнэригэр, көрүдьүөһүргээн: «А-нука, рядовой Егоров, присягу наизусть, чётко и внятно, в стойке смирно!»- диэтэхтэринэ, киһим тардыалата-тардыалата, имиллэрин-хомулларын көрө-көрө быардарын тарбааччылар. Ол аайы, биһиги киһибит өссө ыгылыйан, оскуолаҕа курдук остуолугар бүк түһэн ыла-ыла, туой: «Эй, з..з..забыл»,- диэн баран, кэтэҕин тарбанан кэбиһэн бууһа күллэртиир. Хараҕын уута кэлиэр диэри күлбүт сержант нэһиилэ: «Рядовой Егоров, я же сказал в стойке смирно»,- диэн бөтүөхтүүр, онтон илиитинэн сапсыйан ыытан кэбиһэр.
Куораппыт туһунан кылгастык. Саратов Улуу Волга кытылыгар турар улахан уонна кырдьаҕас куорат. Промышленнай уонна үөрэх тэрилтэлэрэ дэлэйдэр. Элбэх заводтар, фабрикалар бааллар. Аатырар музыкальнай консерваториялаахтар.
Биһиги чааспыт, тоҕо эрэ Карл Маркс аатынан ааттаммыт театры (бытыктаах оҕонньор театрга туох сыһыаннааҕын өйүм хоппото, баҕар, «Капиталын» суруйарын быыһыгар театральнай куруһуокка сылдьара эбитэ буолуо) уонна Сойууска биллэр-сураҕырар циркаларын кытта шефтэһэр. Ол аата, дьиэлэрин хомуйуу, территорияларын ыраастааһын үлэлэригэр үлэһит илиинэн (атыннык эттэххэ биһигинэн) хааччыйар. Манньатын ый быыһыгар-атаҕар биһиги көһөн тиийэн, утуйа-утуйа, босхо испэктээх, эбэтэр цирковой оонньуулары (манна баҕас утуйбаппыт) көрөбүт. Антракка харчылаахтар буфеттарга аһаан тыыннарын таһаараллар. Циркаҕа кыыллар ноһуомнарын хомуйа сырыттахха, сыта-сымара сүрдээх буолар. Киинэҕэ, телевизорга көрө олорор курдук буолбатах. Өрүс порда өрүү балык сыттаах буолар. Үчүгэйдик идэлэрин баһылааччыларга киирсэн, биир оскуолаҕа «танцыларыгар» сырытыннарбыттарыгар сылдьыбытым. Солдатскай таҥастаах үҥкүүлүүрбүттэн, саҥа үүнэн эрэр тараҕай төбөбүттэн, таллайбыт кулгаахтарбыттан кыбыстан, үҥкүүлээбэтэрбин даҕаны, сөбүлүүр ВИА-ларбын истэн, кыыс аймаҕы көрөн, харахпын сымнатан, астынан аҕай кэлбитим. Уолаттар ымсыыран бөҕө буолтара. СКС сааны ыһарга, хомуйарга үөрэттилэр. Булт саатыгар тэҥнээтэххэ, ыйааһына чэпчэкитэ, санныбын дарбыйбата, көнөтө (биир бэйэм улаханнык кыҥаабакка да ытар этим), дьэ кырдьык да сэриигэ туттуллар сэп диэххэ айылаах. Аата этэрин курдук, бэйэтин ыппыт гааһынан иитиллэр, уон ботуруону автомат курдук ытыахха сөп, чыыбыһын тардан иһиэххэ эрэ наада. Присяга кэнниттэн нэрээттэргэ эҥин барыталыыр буоллубут. Онтубут эмиэ араастаах эбит. Куһаҕан соҕус бэрээдэктээхтэри свинаркаҕа, кухняҕа кирдээх-хахтаах, үлэлээх соҕус өттүгэр анньаллар. Мин бастакы нэрээппэр «чайниксытынан» сырыттым. Бу «өҥнөөх» обьект. Үс аһылык тухары: сарсыарда, киэһээ чаанньыктары чэйинэн толоро-толоро «окошканан» биэрэн иһэҕин, эбиэккэ компуот эбэтэр кисель. Аһылыктар кэннилэриттэн чаанньыктаргын уонна обьеккын сууйдуҥ да бүтүүтэ. Харабылга эмиэ «үчүгэйдэр» дьиэ иһинээҕи постарга эҥин тиксэллэр. Тугу үөрэтэллэрин, түргэнник ылынан иһэр буолан, сержаттар да, бэйэм да дьонум ытыктабылларын ылар буолбутум. Маҥнайгы сыал ытыытыгар сип-сибиэһэй буруолуу сылдьар бухааҥханан «наҕараадаланным». Онно Ийэ Дойду үрдүк наградатыгар тиксибит курдук этим. Уолаттар кэлэн бары илии тутуһан эҕэрдэлииллэр, ордук хара омуктар: «Якут сынайпер, бэлку гылаз попадает»,-дэһэллэр. Оччо «албыннаспыт» дьоҥҥо килиэпкиттэн бэрсэргэр эрэ тиийэҕин. Сотору соҕус взводка комсорунан талыллыбытым. Онтон хайыһарга сүүрүүгэ биир дойдулааҕым Егоров уонна Горьковскай уобаластан сылдьар уол кэнниттэн үһүс кэлэн, эмиэ Сахам сирин ааттаппытым, иккис разряд нуорматын толорбутум. Перекладинаҕа тардыныыга эҥин бастыҥнарга сылдьыбытым. Улахан баҕайы омук уолаттара: «Ты у нас маленький и весишь мало, поэтому много раз подтягиваешься. Следующий раз не надрывайся, чтоб нас не ругали»,- диэн көрдөһөллөр. «Оннук буолумуна, бэйэҕит ыйааһыҥҥытын кыаммат буоллаххытына, сылдьыаххыт эбээт»,- испэр кыһыйа саныыбын. Сүүрэн хотторон баран, эмиэ чэпчэки уонна табахтаабат буолаҥҥын диэн буолта. Дьэ араас сылтаҕы буларга баҕас маастардар. Дьиктитэ диэн баар, дойдубар спорт араас көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктаммытым иннигэр улахан ситиһиилэммэтэх киһибин. Кистээн боксанан дьарыктанарым, И.И.Ефимов ыарахан атлетикатын сиэксийэтигэр сылдьарым. Кирииллэбис учуутал үрдүккэ үчүгэй буолсугун диэн эрчийэ сатаабыта. Доҕотторум Сааска Карпов, Миитик Старков, Толик Чичигинаров күлүктэригэр сылдьыбытым быһыылааҕа. Ол гынан баран онтум мээнэ хаалбатах быһыылааҕа, бэйэбин баҕас кыанабын. Аны үчүгэй буочардаах, ойууһут буолан, дивизия штабыгар суруксут буоллум. Онно сырыттахпына, капиталистическай сирдэргэ сулууспалыан сөптөөх диэн аата ахса биллибэт элбэх анкетаны толортордулар. ОАР (Обьединеннная Арабская Республика) диэн сиргэ. Ол иннинэ, сорох уолаттары штабка илдьэн үөһээ өттүлэригэр хаалтыстаан, маҥан соруочукалаан, хара көстүүмнээн хаартыскаҕа түһэрбиттэр этэ. Тоҕотун ким да билбэт. Арай мин: аллараа өттүгэр саллаат кирдээх ыстааннаах, саппыкылаах, үөһээ өттүгэр сыбаайбалаары гыммыт курдук таҥныбыт уолаттарым хаартыскаларын оҥорон көрө-көрө дэлби күлбүтүм. Онтум, уолаттары олох да омук сиригэр таһаартаары сылдьар эбиттэр. Олор истэригэр биир дойдулааҕым эмиэ баар этэ. Төһө да, тугу манна билбиккитин кимиэхэ да кэпсээбэккит диэбиттэрин иһин, уолбуттан итинник сонуну кистиирим хайдах да табыллыбат этэ. Киэһээ туумбаларбыт таһыгар олорон, кэпсээн биэрдим. Бастаан утаа, киһибин хайы сах илдьэн эрэллэрин курдук санаан, сүөм түспүтүм, онтон эдэр эдэр курдук иккиэн күлэн-оонньоон турдубут: «Хата, Индия курдук дойдуну көрүүһүккүн, биир эмит индианканы кытта эрийсиэҥ, кэһиигин кокоста, ананааста аҕалаар»,- диэн үлэстим. Барахсаттар, ол дойду паардаах баанньык курдук итиинэн илгийэрин, үөнүн-көйүүрүн хотугу киһи тулуйбат диэн түһээн да баттаппат буоллахпыт. Хата, дьолго диэххэ дуу, уолбун илдьэ иһэн аара Москваҕа хаалларан кэбиспиттэрэ. Онтон дембеллэммитэ. Кэлин «Би-би-һиэхэ Москваҕа» диирэ элбэҕин иһин «Москва Володя» диэн ааттаабыттара. Германияҕа сулууспалыы сырыттахпына, Туркмения учебкатыттан кэлбит азиаттара да, нууччалара да биллибэт гына күн уотугар харааччы сиэниллибит уолаттар Германияны «ырай дойдута» дэһэллэрэ. Түүн итииргээн кыайан утуйбакка, саптар бырастыыналарын дьэбиннээх уһааттаах ууга батары баттаан ылан, ол курдук чаккыраппытынан бүрүнэ-бүрүнэ утуйа сатыыллара, онтулара уонча мүнүүтэнэн хартаччы кууран хаалара үһү. Биһигини радиорелейнай механик идэтигэр үөрэтэллэр. Аэродромнары сибээһинэн хааччыйыахтаахпыт. Манна эмиэ табылынным, сибээс мин төрөөбүт эйгэм буоллаҕа. Бу сылдьан, биир кыбыстыылаах суолу биллим. Узбекстантан сылдьар татаар уолун кытта кэпсэтэбит. Киһим омукпун хос-хос ыйыта-ыйыта ырбаҥнаа да ырбаҥнаа буолар. Онтон биир дойдулаахтарын ыҥыран күлүү гыммыттарыгар, тулуйарбын ааһан, уолугуттан ылан баран эркиҥҥэ баһынан баалкылаатым. Сержаттар эҥин орооһон, нэһиилэ уоскуйдум. «Кутах», эбэтэр «кут» диэн кинилэр тылларынан эр киһи оҕо оҥорор сэбэ үһү. Ону, бу үөннэр, биһигини «Я кут» дэттэрэллэр эбит. Онтон ыла, орто азия дьүһүннээхтэргэ, эбэтэр атыннык эттэххэ, «чууркаларга» мин бэйэбин сахабын дэнэр буолтум. Бүрээт атаһым ыйытар: -Эн сахалыы аатыҥ кимий? -Сергей. -Суох, сахалыы ааккын ыйытабын. -Көр, бу байыаннай билиэппэр ким диэн сурулла сылдьарын. Сергей диэн. -Эн, иһит. Мин аатым Намсарай диэн, ону нууччалар эмиэ эн курдук Сергей, Серёга дииллэр. Онтон эн сахалыы аатыҥ ким диэний?- киһим ыйыппытын курдук ыйытар. -Туу, доо, бу да киһи, Сергейбин диибин дии.- Киһим эмиэ уоһа чорбоҥнообутугар,- да пошел ты…- илиибинэн сапсыйабын. Бу олорон: «Кырдьык да, тоҕо сахалыы аатым суоҕуй? Мантан инньэ бу маннык бүрээттэр-ирээттэр сордууһулар». Оҕо эрдэхпинэ, таайым дьээбэлэннэҕинэ ааттыырын өйдөөн: -Өнчөх диэммин,- диэтим. -Ол аата туох диэн өйдөбүллээҕий?- киһим өссө иһирдьэ киирэр. -Обух топора,- диэн тылбаастыыбын. -А почему Обух?- Намсарай тохтуур санаата суох. -Слышь ты, это означает, что человек тупой, упрямый, как твой ишак, понял? -Понял,- киһим дьэ арахсар. Ишак курдук өһөс, аҥала киһиттэн тугу булуой. Сороҕор, сахалыы ыллаан иһитиннэр эрэ диэн муҥнууллар. Онуоха төһө эмит музыкальнай слух баар эрээри, биир да тылын билбэтим оҕото сыттаҕа дии. Ыксаан, Аркадий Алексеев «Таптыырбар буруйдаах үһүбүн дуо?» диэн ырыатын тыла чэпчэкитин иһин буолуо, бастакы күппүлүөтүн кытта хос ырыатын өйдөөн хаалбыппын, хаспыт пластинка курдук эргитэн аҕала-аҕала, ыллаан куотунабын. Дьиктиргиэм иһин, кинилэргэ М.Магомаев дуу, И.Кобзон курдук иһиллэрим дуу, эбэтэр бэйэлэрин ырыаларыгар майгыннатан эбитэ дуу, бэрт ырыа эбит диэн соһуппүттара. Сайын ортото. Куйаас да куйаас. Кухняҕа нэрээккэ сылдьабыт. Миигин сибиэһэй луугу дуу, тугу дуу ыллара ыыппыттара. Ону көрдүү сылдьан биир аппайан турар ааннаах кладовканы өҥөйөн көрдүм, онтум улахаан да улахан холодильник эбит. Кырыарбыт эркиннэри көрөн, күөмэйбэр туох эрэ кэлэн туора турунан кэбистэ. Ытыы сыстым. Киирэн ыллыы-ыллыы эркиннэри кэрийэ сылдьан тарбахпынан «Мома», «Якутия» эҥин диэн суруктарынан толортоон кэбистим. Түөспүн толору тымныы салгыны эҕирийбэхтээтим. Уолаттар сүтүктээн көрдүү кэлбиттэригэр холодильник иһиттэн: -Я здесь, на Родине!- диэн хоруйдаатым. -Ты случайно, тут не примерз? Чё так долго? -Мин бачахтарбын саҥата суох ааҕан баран, биирдэрэ өйдөөх баҕайытык туттан туран: -Слышь, якут, слово «Мама» так не пишется, грамотей,- диэтэ. Мин туран, аны муостаҕа төкүнүйэ сылдьан быарбын тарбаатым. Арба да, уолаттарым Мома диэни билбэт буоллахтара. «Грамотнай» табаарыһым: -Ычча, мантан барыахха. Бу саха кырыаны көрөн, хаар дии санаан бырахтарбыт быһыылаах. Аны биһигини тииҥнэр дии саныан иннинэ, баран оружейканы (хаһаармаҕа саа-саадах ууруллар хоһо) саптара охсуохха. Хайаабыт киһи тымныыттан үөрүөн сөбүй?- диэн ботугуруу-ботугуруу холодильниктан уолаттары илдьэ таҕыста. Кырдьык, киһи дойдутуттан тэйэ сылдьан, төһө да үчүгэйдик сырыттар, дойдугун санатар (ханна эрэ аахпытым, сылгы сааҕа да баҕалаах) тугу эмэ көрөрүҥ долгутуулаах да буолар эбит этэ. Биирдэ Егоровы кытта, туохха эрэ буруйданан, кухня нэрээтигэр свинаркаҕа ыыттылар. Нэрээппитин тутан баран, сибиинньэлэр турар хаһааларын иһин күрдьэн бурҕаҥната сырыттахпытына, биир аҥаар хараҕа ала нуучча оҕонньоро кэлэн турар эбит.
Дорооболоһоот: -Сахаларгыт дуо?- диэн ыйытта. Биһиги соһуйдубут: -Хантан биллиҥ?- диэн хардары ыйытабыт. Киһибит: -Чууркалар хаһаа иһигэр киирэн да бэрт,- диэн бэрт судургу быһаарыылаах буолла. Омуктар уратыларын үөрэппит барахсан диэтэҕиҥ. -Ол хаһааҕа киирбэккэ хайдах үлэлиир сахтарый? -Онтубут оҕонньорго бэйэтинэн бэйэтигэр кыһыл ыллараллар уонна бэйэлэрин оннугар үлэлэтэллэр. Биһиги «чууркалар» буолбатах дьон, кыһыл ылларан баран, бэйэбит исиһэр да, үлэлэһэр да дьон буолан биэрдибит. Өр испэтэх буолан төбөбүтүгэр түргэнник таҕыста. Ол да буоллар үлэбитин утаппатыбыт. Түүнүгэр, арыгыбыт бүппүтүн кэннэ, дойдубут ахтылҕана өссө күүһүрэн кэллэ, олох хайыахпытын да билбэт гына. «¤уу! Доо, сыл да аҥара буола иликпит дии, икки сыл иннибитигэр, аата элбээн абыраммытын». Күрүөх санаа эҥин киирэ сырытта. Хата, онно-манна тиийэ иликпитинэ, оҕонньорбут кураанахтаабыт бытыыккаларбытын туттаран, «кэһиилээх» кэлэн абыраата. Билигин «дедовщина» туһунан иһиттэхпинэ, ол түүнү санаан кэлэбин. Сэрэйдэххэ, сорохтор итинниги тулуйбаккалар чаастарын быраҕаллара буолуо. Дьиҥэр, биһиги кэммититтэн аармыйаны олох тосту-туора уларыйбыта буолуо дии санаабаппын. Бэйэҕин хайдах көрдөрөргүттэн улахан тутулуктаах. Кырдьык, бэйэтин кыайан көрүммэт-хараммат, сууммат-тарааммат, тугу да сатаабат киһини хаһан да, ханна да (аармыйҕа эрэ буолбатах) туораталлар, атаҕастыыллар, сэнииллэр даҕаны. Кыргыттар тустарынан. Аармыйаҕа кыыс оруола улахан. Барахсаттар, туох да омуна суох, аармыйаны аҥардас суруктарынан да тутан олороллор диэххэ сөп. Суруктар күн аайы көтөҕүнэн кэлэллэр. Ким төһөнөн элбэх суругу кыргыттартан тутар да, соччонон сулууспата үчүгэйдик барар. Германияҕа сылдьан биир кыыстан туппут сурукпар, ханнык истиэпкэ бааргыный диэн суругунан ыйытан күллэрэн турардаах. Ол аадырыһым «полевая почта» диэниттэн буоллаҕа буолуо. Сойуус иһинээҕи аадырыс «в/ч» (войсковая часть) диэн буолааччы. Табыллыбатах таптал, аармыйаҕа сылдьар уолун таҥнарбыт кыргыттар тустарынан араас бэйэлээх кэпсээн-ипсээн элбэх этэ гынан баран, сулууспам устата, миигин кытта итинник дьиҥнээхтик буолбута диири истибэтэҕим. Билиҥҥи аармыйаҕа, ол биһиги саҕанааҕы курдук историялар баалларыттан сибикилээтэххэ, арааска, ыраахтааҕы аармыйатын саҕаттан бааллар быһыылаах. Ол, «иэстэрин» сүүрбэ биэстии сылы Ийэ дойдуларыгар биэрэллэрин саҕана үөскээбит буолуохтаах. Аны аармыйаттан «буор иһээччи» буолан кэлбиттэр тустарынан. Манна бигэтик этиэххэ, аармыйаҕа арыгылааһыны биһирээбэттэр, арыгылыырга үөрэппэттэр даҕаны. Кырдьык, биирдиилээн түгэннэр суох буолуохтарын сатаммат. Хайдаҕын да иһин, эр дьон эйгэтэ буоллаҕа. Эппиһиэрдэр ортолоругар арыгылааһын да баара. Ол да үүнэ-тэһиинэ суох буолбатах. Үрдүөххүн-үүнүөххүн, чыыҥҥа-хааҥҥа тардыһар буоллаххына, арыгы атаһы кытта ырааппаккын. Бэйэҕиттэн үрдүк сололооҕу, итирик буолуохтааҕар, сыттаах да көрүстэххинэ - бүттэҕиҥ дии. Сулууспатын устата «куурбакка» кэлбитин туһунан кэпсэнэр саллааты итэҕэйимэҥ, албын. Биир бэйэм, ол свинаркатааҕы түүн кэнниттэн сэрэхэчийэр буолтум, иһэн баран, бэйэҕэ эҥин тиийиниэххэ сөп эбит диэн. Сулууспалаан бүтэн баран, бытыыккыҕа умса түһүү диэн, дьэ ол туһа туспа. Таҥара дьиэлэрин куолакаллара тыаһыыллар. Биһиги сэттис ротабыт баар сэттис этээһин түннүгүнэн сааскы Саратовы одуулаһабын: били аатырбыт «Грачи прилетели» хартыына курдук мастар көстөллөр, сотору-сотору итирбит-кутурбут дьоннор төттөрү-таары тэлбиҥнэһэллэр. Пасха бырааһынньыга эбит. Былыргы суруйааччы Горькай Волгатын кырдьаҕас куоратыгар баарбын ээт, үүт маас. Таҥастара эрэ аныгы. Саас буолан учебкабытыттан арахсыы кэмэ тиийэн кэллэ. Биһиэхэ кирзовай саппыкыбыт оннугар яловай саппыкы биэрбиттэриттэн сылыктаатахха (саллаат билгэлээһинэ) кыраныысса таһыгар илдьэр буоллулар быһыылаах. Учебкаттан вокзалга диэри «Прощание славянки» марш доҕуһуолланан бардыбыт. Киинэҕэ сэриигэ атааралларын курдук, нуучча эмээхситтэрэ ытаһа хааллылар. Сэрэйдэххэ, сэриини өйдүүр барахсаттар быһыылаах. Бэйэбит сибилигин, сир уларытан, сонунтан өссө сонун сиргэ тиийиэх буолан үөрэ-көтө иһэн, эмээхситтэр ытаһалларын көрөн, эмиэ куһаҕан ахан буоллубут. Ханна-ханна тиийээхтиибит, иннибитигэр туох-туох күүтэр? Улуу Москубаҕа, Павелецкай вокзалга аҕалан сүөкээн кээстилэр. Суолбутугар кэнсиэрбэ хааһыларынан аһаталлар. Биһиэхэ үчүгэйэ сүрдээх: биир бэйэм киин куораппын маҥнай харахтааһыным. Онтон Белорусскай вокзалтан поеһынан салгыы айаннаатыбыт. Дьэ доҕоор, киинэҕэ көстөр курдук, бииртэн биир күп-күөххэ сууламмыт куораттар субуллубаттар дуо? Эчи ыраастарын, киһи ымсыырыах. Аатырар Брест куоракка тиийэн таможняны аастыбыт. Улуу сиргэ тиийэн, мэктиэтигэр куйахам күүрдэ. Манна кириэппэс көмүскээччилэрэ фашистары кытары биир киһи хаалыар диэри сэриилэспит сирдэрэ. Алын кылааска сылдьан, сарсыарда кыайан туруоҥ суоҕа диэн боболлоруттан, суорҕаным иһигэр банаарынан сырдатынан С.Смирнов «Бресткая крепость» диэн кинигэтин аахпытым. Харахпар ол хорсун дьону оҥорон көрөбүн, сороҕор бэйэбин сэриилэһэ сылдьар курдук сананабын. Ол да буоллар, ама, бу айылаах айыы сиригэр, оннук үлүгэр өлөрсүү-өһөрсүү буолта буолуо дуо диэххэ айылаах күп-күөх халлаан, тыа, чуумпу сабардаан турар. Салгыы айаннаатыбыт. Польша кыраныыссатын ааһааппытын өссө атын хартыына аһылынна. Өскө Сойуус иһигэр тимир суол икки өттүнэн түннүгүнэн быраҕыллыбыт бөх көстүтэлиир буоллаҕына, манна чыҥха атын көстүү. Анаан хомуйаллар дуу, тугуй дуу? Поляктар хайдах эрэ минньигэс баҕайытык, ыллаан эрэр курдук саҥараллар. Биһигини манна хааллараллара дуу, салгыы илдьэллэрэ дуу? Төһө өр айанныыбыт, оччонон биһиэхэ үчүгэй буоллаҕа, айанныы сырыттахха сулууспа бара турар. Өйүөҕүттэн үссэнэ-үссэнэ, түннүгүнэн хаһан да көрүөм диэбэтэх сиргин-уоккун одуулаһа-одуулаһа сыт да сыт. Бааһыналарыгар куобахтар, куруолуктар, туртастар, көлүччэлэригэр кус-хаас элбэҕиин! Биһиги курдук булт диэҥҥэ кыһаммат дьон быһыылаах. Кэрэ Варшаваны ааһарбытыгар, сайыҥҥы чап-чаҕылкай күн быыһынан ардыы турар этэ. Биһиги поезпыт радиотыгар, оччотооҕуга тарҕаммыт «Веселые ребята» «Варшавский дождь» диэни ыллыыллара, хартыынаны ситэрэн биэрбитэ. Онтон ГДР сиригэр киирдибит диэн буолла. Германияны Аҕа Дойду сэриитинэн, киинэлэртэн, кинигэлэртэн билбэхтэһэр соҕус сирбит буоллаҕа. Ол эрээри, манна сэриини санатар туох да көстүбэт. Саҥа көрөбүн эрээри, хайдах эрэ миэхэ, эппэр-хааммар иҥпиттии көстөр готическай истииллээх тутуулар (урукку олохпор ньиэмэс эбиппин дуу, сах дуу?) көстүтэлииллэр. Чааспар Саратовтааҕы учебкаттан түөрт табаарыспын кытта кэллим: иккибит релейщик, иккибит ЗАС-тэр (засекреченная аппаратура связи). Биһиги ЗАС уолаттарын ордугургуубут. Харабыллаах үлэлиир буоланнар наар утуйан тахсаллар. Бэрибиэркэ кэллэҕинэ утуйа сытар буоллаххына бүтэрэр буоллахтара. Табахтыыр сиргэ биир бэйэбит призывпыт уолу кытта билистибит. Ол уол: «Дьэ, эһиги бэркэ табыллан кэлбиккит, «дедтар» бэҕэһээ эрэ бартара, кэһэтиэхтэр этэ»,- диэн, туох иэдээннээх сиргэ кэллибит диэххэ дылы, сүрдээн-кэптээн аҕай кэпсээтэ. Кэпсэтэ туран, мин иһиттэхпинэ: «Красная Шапочка идет, взводный»,- диэтэ. Туох дьиибэ хос ааттаах киһиний, дьиҥнээх аата ким эрэ диэн буолла? Киһибит кэлэн чиэс биэрэн баран: «Старший лейтенант Красношапка, ваш взводный»,- диэн билистэ. Дьэ араас да аат баар буолар эбит, бу дойдуга. Эбиэккэ стройунан бардыбыт. Биһиги, учебкаҕа курдук, уҥуохпутунан кэнники соҕус тураары гыммыппытын, инники анньан кэбистилэр. Саҥа хоҥнон истэхпитинэ, кэннибититтэн иһээччилэр: «Выше ноги!»- дии-дии тилэххэ тэбиэлээн бурҕаҥнаппаттар дуо. Эргиллэн тыл бырахсаары гыммыппыт, аны илдьэ иһэр сержаммыт: «Вперед смотреть и выше ноги, сморчки!»- диэн ордооттоон, бууһа ыгылыйдыбыт. Манна өйдөөн көөрпүт, баарыын билсибит уолбут, уҥуоҕунан биһигиттэн үрдээбэтэр да, биһиги иннибитигэр баар эбит. Аныгыскы стройдааһыҥҥа инники талаһар буоллубут. Биһигини сотору-сотору кухня нэрээтигэр ыыталлар, дэҥҥэ радиорелейнэй станцияларга стажировкаҕа сырытыннараллар. Биирдэ төрдүөн (Саратов учебкатыттан кэлээччилэр), кухня нэрээтигэр, субу дьиэтигэр бараары сылдьар сержант Коба диэн «дед» старшайдаах сырыттыбыт. Киһибит «өлөртүү» сыста. Хас радиатор быыһыттан, лаампаттан сөмүйэтинэн быылы сотон ыла-ыла: «Бу тугуй? Сержант Коба диэни өйдүү-саныы сылдьар гыныталыам»,- дии-дии муостабытын, кухнябыт истиэнэтин, иһиппитин хос-хос сууйтар да сууйтар. Дэлби сылайан, таҥас курдук буолбут дьон, түүн үөһэ хаһаарымабытын булан, өлөрбүтүнэн утуйа сыттахпытына «Подьем» буола охсон хаалла. Кобаны мин кырдьык умнубаппын. Ол эрээри, ол сахха курдук абааһы көрбөппүн, билигин көрсөрүм буоллар, арааската, аҥардас биир чааска сулууспалаабыт буолан атас-доҕор буолуохпут этэ. Ол курдук, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, аармыйатааҕы эдэр-сэнэх күннэриҥ күндүтүйэн иһэллэр. Күнүс политүөрэхтэр буолаллар. Ленин үлэлэрин үөрэтэбит. Мин манна биири өйдөөбүтүм: кыратык ойуулуур идэлээх буолан, кэнспиэкпин дэлби киэргэтэн-оһуордаан толоробун. Оччоҕо ис-хоһоонугар, кып-кылгастык да суруммут буоллаххына, улаханнык болҕойботтор. Стажировкаланаргар, эйигин станцияҕа соҕотохтуу хаалларан баран, «дедтэр» бэйэлэрэ ханнык эмэ станцияҕа мустан «дембел» туһунан «мечтайдыыллар». Харабылга турабын. Станциялардаах массыыналар икки ардыларынан сылдьабын. Икки чаас диэн уһуур да буолар эбит. Ордук түүн. Ханна эрэ олоро түһэн нуктаан ылбыт киһи. Өйбөр араас кутталлаах түбэлтэлэр киирэллэр: өстөөхтөр, харабылы устан баран, чааһы-чааһынан кырган кэбиһэллэр үһү. Бу туран, биир күлүүлээх түгэни өйдөөн кэллим. Соболооххо Тоорускай күөлүгэр кус кэтии сытабыт. Дьонум илдьэ кэлбит ууламматах испиирдэриттэн кыралаан бэрсэллэр. Түүн ортото испирбит бүтэн, сорохтор утуйаары гыннылар. Миигин уон сэттэлээх чолооскуну: «Түөрт куска диэри бэйэн ытаҕын, онтон элбэххэ биһигини уһугуннараҕын»,- диэн салгыы кэтэтэ олортулар. Мин, хайдах эрэ элбэх куһу түөртүүнэн сууһарарбын оҥорон көрө олорон утуйан хаалбыппын билбэккэ да хааллым.
Биирдэ иһиттэхпинэ, кус саҥата да саҥата. Харахпын аһа биэрбитим үрдүбэр кус бөҕөтө, халлаан хараҥарар куһа кэлэн түһэн эрэр. Били дьону уһугуннарар эрэ, сах эрэ, уон алталааҕым икки уоһун түһэрэн кэбистим да – малыйдым. Ити үлүгэр элбэх куһу, икки уос тухары, ханан көрөн ыппытым буолла? Хата, дьонум уһукта биэрэннэр, түөрдү түһэрдилэр. Онтум өлүү түбэлтэлээх хаас үөрэ эбит. Дьонум кыһыыларыгар тоҕо уһугуннарбатыҥ диэбиттэрин «алҕас» утуйан хаалбыппын диэн хоруйдаан, өссө эбии уокка арыы кутан биэрдим. -Билэҕин дуо, Чапайдаах тоҕо өлбүттэрин? -Суох. -Эн курдук разгильдяй часовойдаах буоланнар,- диэн түмүктээтилэр кыттыгастарым, хаас үөрүн куоттарбыт кыһыыларыгар. Ок, миигин солбуйа иһэллэр, дьэ, баран утуйуом даҕаны буоллаҕа: «Стой! Кто идет!»- үөрэ-көтө куолаһым муҥунан ыһыытыыбын. Биирдэ эмит ниэмэстэри кытта алтыһабыт. Сорох уолаттар кыратык ниэмэс тылынан кэпсэтэллэрин ымсыырабын аҕай. Оскуолаҕа бу тылы тохсус, онус кылаастарга үөрэтэр этилэр да, биһиги собус-соҕотох «иностранкабыт» дэкириэтигэр баран хаалан, икки эрэ ый үөрэммиппит. Муҥ саатар, «Аатыҥ кимий?», «Үтүө күнүнэн»,- эҥин диэннэри билэр киһи, уолаттар убаастабылларын ылыа эбит. Уопсайынан оскуолаҕа биэрэр программаларыттан биир да тиэмэни көтүтэр, кэлин ночооттоох буолар эбит диэн өйдөөбүтүм. Мин соҕотоҕун олорон, түгэнинэн туһанан олорбутунан нуктаан ыллым. Итиитэ бэрдиттэн будка түннүктэрэ, ааммыт аһаҕас. Ол нуктуу олордохпуна, аһаҕас түннүгүнэн хоонньубар туох эрэ инчэҕэйи куттулар. Соһуйаммын, үлүбээй харбаан, алюминиевай куруусканы тутан хааллым. Кимнээх эрэ куотан тилигирэстилэр. Дьуһуурустубаны халларан барыа суохтааххын, ол иһин эккирэппэтим. Сотору соҕус аттынааҕы станцияттан, икки миигиттэн сыл аҥаарынан улахан уолаттар кэлэн, куруускаларын көрдөөтүлэр. «Киирэн ылыҥ»,-диэтим. Хап сабар киирдилэр. Мин, ону эрэ кэтэһэн олорор киһи, биир-биир «уоптартаан» кэбистим. Дьонум көмөлөөн кыайбатылар. Тахсан куотан иһэн, ыраахтан: «Ротаҥ «стариктарыгар» этэн кэһэттэриэхпит»,- диэннээхтэр. Мин тахсан куруускаларын, бетон тротуарга ууран баран, кувалдалаан кээстим уонна дьэ ылыҥ диэтим. Ити кэнниттэн «дьиикэй» сахаҕа илиилэринэн киирбэт буолтара.
Сотору соҕус ойуулуур идэлээхпин билэннэр, «дедтэр» дембельскэй альбомнарын ойуулаан-оһуордаан, «статуһум» үрдээн, ким да тыыппат, тарбаҕынан да ыйбат киһитэ буолбутум. Аны сибээс «төрөөбүт» эйгэм буолан, идэбин түргэнник баһылаабытым. Станцияҕа алдьаныы-кээһэнии таҕыстаҕына эппиһиэрдэр бэйэлэрэ туораталлара. Мин саҥата-иҥэтэ суох алдьаныылары бэйэм туоратабын. Кэлин онтум биллэн, буруйга-сэмэҕэ тардылларым буолуо диэн куттаммытым, үөрэ-көтө бэйэм өрөмүөннэнэрбэр көҥүл биэртэрэ (кинилэр да түүн-күнүс, арыт өрөбүлгэ станцияларга сүүрэртэн салҕар буоллахтара).
Увольнение диэн саллаакка кэрэ түгэн буолаахтаатаҕа. Эдэр саллаакка мээнэ тиксибэт, «дедтэр» бэйэлэрэ сылдьыбакка, эйигин ыыта сылдьыыһылар дуо? ГСВГ (Группа Советских Войск в Германии) диэн государствоҕа увольненияҕа түбэстэххинэ, эмиэ группанан (бэйэбит этэрбитинэн «стройунан») эрэ сырытыннараллар. Куораппыт аата Цербст диэн, күп-күөххэ сууламмыт, дьоҕус гынан баран, бэрт баай историялаах буолан биэрдэ. Манна аатырбыт нуучча императрицата Улуу Екатерина II өбүгэлэрин дыбарыаһа баар.
Дьиҥнээх аата-суола Софья Фредерика Августа Анхальт-Цербсткая диэн немец принцессата эбит. Дыбарыаһы таһыттан ыйан көрдөрбүттэрэ, иһигэр сырытыннарбатахтара, бука көҥүллэммэтэ буолуо. Убайдарбыт барахсаттар бэйэлэрин историяларын билиммэттэринэн баҕас, хайа да омукка иннилэрин биэрбэт обургулар буоллахтара. Ити улуу дьахтардарын туһунан билигин тугу-тугу кэпсээбэттэрий? Куораппыт тулата улахан аэродромнардаах. Олору биһиги батальоммут сибээһинэн хааччыйар. Бу аэродромнартан Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр, биһиги дойдубутун Сэбиэскэй Сойууһу бомбалыы көппүттэр эбит. Биһиги казармабыт, үһүйээн быһыытынан, эсэсовскай оскуола үһү. Анаан көрдөрбүттэригэр эркинигэр саба кырааскаламмыт свастика омооно баара. Саа ууруллар пирамидаларыгар биһиги противогазтарбытын хаалыыбыт. Урукку саалар прикладтарын оннулара билигин да баар. Дьиэлэр үксэ черепица кырыыһалаахтар. Түннүктэрэ уһун синньигэс. Куорат ортотугар былыргы рыцарь статуята уонна кириэппэс бааллар.
Олор иккиэн биһиги таптаан хаартыскаҕа түһэр сирдэрбит. Биир увольненияҕа биһигини куорат кылабыыһатыгар сырытыннарбыттара. Ниэмэстэр бэйэлэрин өбүгэлэрин уҥуохтарын олус ыраастык туталлара сөхтөрбүтэ. Бүтүннүү күп-күөх, сибэкки эгэлгэтэ, уу-чуумпу. Аһыы утаҕынан кутурҕанын аһарына олорор биир да ниэмэс көстубэт. Ас тобоҕо эҥин олох суох. Арай свастикалаах обелистар бааллара, биһиги сэбиэскэй өйбүтүгэр, бу баҕайылар, билигин да фашистыы өйдөрүн-санааларын ыһыкта иликтэр эбит диэн санааны хаалларбыта. Тыыннаах тииҥнэр бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэ сылдьаллара, аармыйа иннигэр үлэлээбит Соболоохпун санаппыта. Онно сибээс линияларын кэрийэ таарыйа, кыралаан тииҥниир этим. Ол эрэн, маннааҕы тииҥнэр дьиэтийэн, киһини үрдүнэн сүүрэн ааһыах курдуктар. Ньиэмэс сиригэр арыгылааһын туһунан. Бу омук аһыырын уонна астыырын сөбүлүүр омук. Ол иһигэр иһэрин эмиэ. Мин кинилэр ортолоругар балтараа сыллаах олохпун атаарбытым. Ол устатыгар арыгылааһыны кытта сыһыаннаах үс эрэ түбэлтэни өйдүүбүн. Биирдэ КПП-ны (контрольно-пропускной пункт) биир итирик ниэмэс буулаата. Тугу баҕарара биллибэт. Балкыһа сатаан баран, полицияны ыҥырбыттара. Онно түргэн үлүгэрдик мотоцикллаах полицейскай уһуурдан кэлэн, киһибитигэр тугу эрэ этэн баран, эрийэ баттаат сүүрдэ турда. Били киһибит, ыт оҕотун курдук, мотоцикл кэнниттэн полицейскай учаастакка диэри сүүрэр-хаамар былаастаах түһэ турда. Уолаттар бэри диэн бэркиһээбиттэрэ: туох акаары киһитэй, хайдах бэйэҕинэн хаайылла барыахха сөбүй? Иккис түгэн: аһаҕас халлаан анныгар баар гаштетка (кафе бииһин ууһа) итирик олорор немецтэр кружкалаах пиибэлэрин тоҕо-тоҕо, тугу эрэ сэбиэскэй саллааттарга туһаайан хаһыытаһаллара. Үөҕэллэрэ эрэ, хайгыыллара эрэ, биллибэт. Тылы билбэт диэн куһаҕан да буолар эбит этэ. Үһүс түгэн: биһиги радиостанциялаах полигоммут таһынан биир, «аччыктаабыт» да саллаат дураһыйбат сирэйдээх-харахтаах, таҥастаах-саптаах, сыттаах-сымардаах дьахтара дуу, эмээхсинэ дуу сылдьара. Ону иһээччи буолбут немка дииллэр этэ гынан баран, кини биирдэ олус ыраастык нууччалыы матырылыырын истибитим, баҕар, нуучча дьахтара буолуо. Үрдүк култууралааҕынан аатырар ниэмэс обургу даҕаны, итирдэҕинэ, култуура диэн өйдөбүлтэн ыраатар эбит этэ. Бөҕү көрбөт омук этэ. Олорор дьиэлэр тастарыгар хас да контейнер турар буолар. Онно бөҕү көрүҥнэринэн наардаан: кумааҕы, пластмасса, өстүөкүлэ диэбит курдук, тус-туспа салапаан мөһөөччүктэргэ уган аналлаах массыынаҕа тиэллэр контейнердарга угаллар эбит. Контейнердарын хаһан тиэйэллэрин биирдэ да көрбөтөҕүм да, туолан таһынан баран, ыһыллан-тоҕуллан тураллара эмиэ да көстүбэт этэ. Сыт-сымар диэн мэлигир. Сыбаалка диэннэрэ олох суох. Онно холоотоххо, биһиги бөҕү кутар сирбит килэйэн-халайан, киэҥэ-куоҥа, бөтүөн остуолбаларынан, хатыылаах боробулуохаларынан төгүрүтүллүбүт, амырыын сытынан тунуйбут иэдээннээх дойду. Киириитигэр «Посторонним вход воспрещен! Военный объект!» диэн ниэмэстии, нууччалыы суруктаах. Хата, хайаан харабыл туруорбаттара эбитэ буолла? Сарсыарда аайы «ГАЗ-66» массыынанан саллааттар эппиһиэрдэр дьиэлэрин кэрийэ сылдьан тобус-толору, таһынан тохто сылдьар, кураанах, инчэҕэй диэн араарыллыбатах, куһаҕан сыттаах контейнердаах (ниэмэс киэнигэр аатынан эрэ маарынныыр) помуойаны сыбаалкаҕа тиэйэллэрэ. Дембеллэнэр сылым сааһыгар Улуу Кыайыы 30 сыла туолбута. «День Победы» диэн Д.Тухманов ырыата Л.Лещенко толоруутугар аан маҥнай дураһыйбыта.
Билигин ол ырыаны иһиттэхпинэ, ол кэмнэр өйбөр-санаабар уһуктан кэлэллэр. Сэбиэскэй Сойуус Геройа, командировкаҕа кэлбит ротам старшината, прапорщик Бражук: «Бачыыҥкаларыҥ тилэхтэрин баахсалаабатаххын»,- диэн төттөрү быраҕан биэрбитэ. «Бээрэ, эн төһө да геройуҥ иннигэр наһаалаатыҥ быһыылаах, мин төһө да дьиикэй саха буолтум иннигэр, кремнээх тиҥилэхтээх бачыыҥканан хаһаарыма муостатын киртитэрбин өйдүүр инибин. Тоҕо эрэ саппыкы тилэҕин ким да кремнэппэт дии,- бачыыҥкаларбын оронум анныгар элээрдэн кэбистим.- Сылдьыаҥ эбээт». «Дедтэр» таах олоруохтааҕар «молодуойдары» ыстырыыстыыллар: «Ылыҥ эрэ, мастар сэбирдэхтэрин саһархай өҥүнэн кырааскалыы охсуҥ эрэ (дембэлскэй күһүнү оҥоро охсуҥ диэн өйдөөҥ)». Иккис рота старшината, араспаанньатын умнан кээспиппин, миигин көрдөр эрэ наар, соруйан эбитэ дуу, көрүдьүөһүргээн эбитэ дуу «рядовой Совнаркомов» диэн ааттыыр (баҕар сэриигэ сылдьыбыт, «совнаркомовскай» нуорматын ахтыбыт киһи буолуо). Быһата көрдөөх киһи.
Табахтааһын туһунан. Ый аайы табахсытарга «Охотничий», «Черкасский» диэн, арааската, чэпчэки сыаналаах гынан баран, аһыы да аһыы, хатан да хатан уоннуу паачканы, тардыбаттарга биир паачка рафинад саахары биэрэллэрэ. Табахтыыр уолаттар нуормаларын «бурҕатан» кэбиһэн баран, ый ортотуттан «окурок» хомуйсар түбүккэ түһэллэрэ. Дьэ эрэй диэтэҕиҥ! Биһиги саахарбытын көрдөрөн олорон сиэбэт буоллахпыт, табахсыттарга син-биир бэрсэбит. Дьиктитэ диэн баар: гражданскай олохпутун аҕыннахпытына, мин наар иһэрбин тоһоҕолоон кэпсии сатыыр этим. Бу өйдөөтөхпүнэ, убайдар испиттэрин-аһаабыттарын туһунан кэпсээн-ипсээн, ыһа-тоҕо сылдьыбаттар эбит. Кырдьык, ким эрэ, хаһан эрэ, хас бытыылканы кимниин испитэ туохха наада буолуой? Мин, арааска, арыгыга наһаа ылларбыппыттан эбитэ дуу, эбэтэр иһээччи эрэ киһини ытыктыахтара-убаастыахтара дии саныырбыттан эбитэ дуу, оннук кэпсэнэрим буолуо. Муус устарга тастыҥ балтым уруутун илдьитэ тиийэн кэлбитигэр: «¤уу, доо, бу мин тиийиэхпэр диэри тулуйбат буоллахтара дии? Хаарыан урууттан маттаҕым»,- диэн, дьоммун, сирбин-дойдубун көрсөртөн буолбакка, арыгыттан маппыт кыһыыбар ботугураабытым. Дембел диэн саллаат баҕатын муҥура буоллаҕа. Сыыйа-баайа 1975 сыл күһүнэ тиийэн кэлбитэ. Мин «хохолларбын» харах уута доҕуһуоллаах атаарбытым балайда буолла. Бэйэм «дембелбин» кэтэһэн бөҕө буола сылдьабын.
Дембэли маннык буолуо дии санаабатаҕым. Дембеллэнээччилэр бары бииргэ барыахтаах этибит. Ону баара, мин биир уолу кытта хаалан хааллыбыт. Эппиһиэрдэрбит «куһаҕан» саллаакка, дембелгэ саамай кэнникинэн барыаҕыҥ диэн куттааччылар. Мин бэйэбин наһаа «куһаҕаннарга» киирсибэт инибин диэн сананабын. Кырдьыга, икки сылы быһа биир дьиэ кэргэн курдук олорбут дьонуҥ бартарын кэннэ, соҕотох хаалар соччото суох буолара. Арааската, хайысхаларынан тус-туһунан ыытар буолан, мин «уһукка» олорор киһи буолан хааллаҕым. Германия күһүҥҥү сииктээх-туманнаах сарсыардата. Биһигини, икки уолу, ротабыт старшината, «ГАЗ-66» «СА» (Советская Армия) диэн бэлиэлээх бүрүөһүннээх массыына кузовар олордон атаара сылдьар. Куруук маат-муут аҥаардаах, хохоллуу минньигэс баҕайы акценнаахтык саҥарар-иҥэрэр бэйэтэ, бүгүн кини да долгуйаахтаабыт быһыылаах. «Сыночки» бөҕө буолаахтаабыт. Массыынабыт хоҥнон, илиитинэн далбаатыы турар старшинабыт барахсан, чааспыт КПП-та (Контрольно-пропускной пункт), кычччаатар кыччаан барбыттарыгар мин хараҕым уута халыйан таҕыста. Кистээн киһибин көрбүтүм, миигиннээҕэр куһаҕан буолбут киһи олороро. Быраһаай, Улуу Германия! Мин дембельскэй альбоммар суруллубутугар дылы: «Германии хорошо, но в Союзе лучше». Миигин онно ийэм, балтым, бырааттарым, доҕотторум, аймахтарым уонна кэрэчээн бэйэлээх кыргыттар күүтэллэр. Ханнык эрэ, дембел бөҕөтө муста сытар сиригэр кэллибит. Үөрүөм быатыгар, мин хохуолларым бары манна кэлэн дембельскэй самолеттарын күүтэ сытар эбиттэр. Германия сиригэр баар, аата ахса биллибэт, сэбиэскэй аэродромнартан биирдэстэрэ эбит. Манна хас да хоннубут. Биир түүн мин хохолларым бэйэ-бэйэлэрин кытта иирсэн турдулар. Эн «стукачтаан» лычка ылбытыҥ, оннук-маннык дэһии бөҕө. Дьоммун дууһам эрэ уоскутта: «Хайдах буолаҕытый? Дембел дии, үөрүөххэ-көтүөххэ буоллаҕа дии». Хата, арыгы булбут киһи? Ол эрээри, арыгы буллахпына уолаттарым олох да кыргыһан кэбиһииһилэр, илэ өйдөөх сылдьан итинник дьаабыланар дьон. Чэ кэбис, кыынньаамыахха. Хохоллар чыыҥҥа-хааҥҥа тардыһыыларын туһунан армейскай анекдоттар кырдьык элбэх буолааччы. Ити буккулла сырыттахпытына, самолеттар кэллилэр диэн буолла. Биир самолетунан хохолларбын кытта көтөр буоллум. Көтүөхтээх самолеппутугар киирэн истэхпитинэ, утары армияҕа саҥа ыҥырыллыбыттар бөлөхтөрө иһэрэ. Биһиэннэриттэн кимнээх эрэ: «Оо, салаги, вешайтесь, впереди два года»,– диэн хаһыытастылар. Эрэйдээхтэри, эмиэ да туохпутуй ол, «вешайтесь» буола-буола. Бэйэбит, тоҕо эрэ ыйаммакка, икки сылбытын боруостаан төннөн эрэбит дии… Эрэйдээхтэр кылап-халап көрө-көрө ааһаахтаатылар. Волгоград. Манна таможняны аастыбыт. Араас кинжал, эротическай хаартыска, олус үчүгэйдик силилимниир гынан баран, самолекка умайан тахсыан сөп диэн былдьанар клей (билиҥҥи «Момент» немецкэй вариана), уонна да атын көҥүллэммэт сээкэй бөҕөтө былдьанна. Киэһэлик биһиги саллааскай «хамнаспытын» сэбиэскэй харчынан биэрдилэр. Туттуллубакка хаалбыт мааркаларбыт, пфенниктэрбит өйдөбүнньүк эрэ буолан хааллахтара. Мин уон тоҕус солкуобайданан байа түстүм. Герой куораты көрө бардыбыт. Испин «хайа аһаан» баран, кытылга тахсан нуучча улуу өрүһүн, Волга кэрэтин одуулаһа олорон утуйан хаалбыппын. Арай ким эрэ сиэхпиттэн тардыалыыр, харахтарбын аспытым, биир шоколад курдук дьүһүннээх, тиистэрэ эрэ килбэҥниир негр турар. Тугу эрэ саҥарар да өйдөөбөппүн. Байбыт харчыбын барытын туттан кэбиспиппин. Түүнүн эмиэ аччыктааһын «процеһа» буолла. Онтон эмиэ хохолларбынаан арахсар түгэммит тиийэн кэллэ. Бу сырыыга дьиҥнээхтик ытастыбыт. Мин кыһыҥҥы бэргэһэбэр уолаттарым хаалбыт бытархайдарын барытын түһэрдилэр: «Хаһан ытынан-куһунан айаннаан дойдугун булуоххар диэри наада буолуо»,- диэтилэр. Кинилэр кэннилэриттэн тута кэриэтэ, Новосибирскайдыыр сөмөлүөтүм көттө. Новосибирскай аэропордугар транзитнай стойкаҕа уочараттыы туран, биир дембел авиатор (биһиги авиационнай сибээстэр погоммут халлаан күөҕэ өҥнөөх) иннибэр баарын өйдөөн көрдүм. Чугаһаабытым Никулин Серёга кип-киэҥинэн көрөн, килэйэн турар эбит. Дьэ табыллыы буолла дии. Бииргэ дойдулуохпут буоллаҕа. Көрсүһүүбүт маҥнайгы омуна ааспытын кэннэ биллибитинэн, кини эбэлээҕэр Томскайдыыр эбит. Украинаттан дембеллэммит. Билиэттэрбитин бэлиэтэтээт, көтүөхпүтүгэр диэри көрсүһүүбүтүн бэлиэтииргэ быһаарынныбыт. Биир буокканы охсон кэбистибит. Мин испэтэҕим ырааппыт киһи түргэнник итирдим. Киһибин түҥ-таҥ атаараат, аллараа этээскэ түһэн, босхо кириэһилэни булан, утуйан оҥтордум. Уум быыһынан иһиттэхпинэ ким эрэ аттыбар баар миэстэни ыйытта, мин көҥүллээтим быһыылаах этэ, бадаҕа. Уһуктарбар, буокка бытыылката сиэпкэ угулла сылдьара көһүннэ. Хайдах-хайдаҕый, түһүүбүн дуу, хайдах дуу? Эмиэ да аэропорт курдук, самолеттар түһэллэрин-тахсалларын биллэрэллэр. «Ээ, арба, дембеллэнэн даххаһыйан иһэр этим дии. Бу кимий бытыыккалаах? Хайа эрэ «бич» быһыылаах». Уһуктан эрэрбин билэн, «бииһим» ханна баран иһэрбин туоһуласта. Ол мин ханналаан иһэрим «бичкэ» туох наадалаах эбитэ буолла? Уубар аҥаарыйбыта буолан хоруйдаабатым. Испэр киһибин үөрэтэн, чинчийэн көрөргө сананным. Баҕар, муокастаары гыммыта буолуо. Бэйэтэ, миигиттэн туохпун ылаары? Дьиҥнээх «бич» буолбатах быһыылаах, ол гынан баран, үлэһиккэ да, үөрэхтээхтэргэ да сыһыана суох курдук быһаардым. Ол икки ардыгар, ханналаан иһэрбин хат ыйытта. «Хайа доҕор, үтүөнэн арахсыбат киһи булла быһыылаах»,- диэн сэрэнэн, үрдүттэн: -Дойдубар,- диэтим. Киһим өрө көтө түстэ: -Мин эмиэ Саха сиригэр барабын,- диэн. Сэрэнэрим өссө күүһүрдэ. «Бачча элбэх киһиттэн миигин эрэ чопчу булан ыллаҕай? Аны мала тоҕо эрэ көстүбэт». Халтаҥ сонун сиэбиттэн буокка төбөтө көстөр. -Иһэҕин? -Суох, баһыыба. -Киһим тулатын көрүннэ уонна үөһээттэн таҥнары өҥөйөн турар патруллары (байыаннайдар бэрээдэктэрин көрөр, быһата байыаннай милиция) ыйан көрдөрдө: -Кинилэртэн куттанаҕын дуо?- диэтэ. «Куттанары баҕас эйиэхэ көрдөрбөт инибин». -Чэ, кут.. -Хараҕым кырыытынан патруллары кэтэһэн, биһиги диэки көрбөт кэмнэригэр хантас гыннардым. «Чэ, бээ, соҕотох эрэ буоллаҕына, наһаа кыайтарбат инибин. Хата, итирбэтэх киһи… Ээ, бытыыккабыт кураанахтаммыт эбит, бэрт». Киһим аны ресторанныах диэн турда. -Миэхэ ресторанныыр харчым суох,- диэтим. Онуоха түөһүнээҕи сиэбиттэн халыҥ баҕайы биэстээх солкуобайдардаах пачканы ороон таһаарда (үйэбэр маннык элбэх харчыны көрө иликпин). «Хата, бэйэтэ харчылаах эбит дии, үчүгэй киһини онно-манна күтүрүү сылдьабын дуу, сах дуу?» -Чэ, барыахха. Бэйи, оттон дембельскэй чымыдааммын? -Куттаныма, турдун ким да тыытыа суоҕа,- диэн буолла. Мин кыратык «чэпчээбит» киһи, биир-биэс тыла суох барыстым. Кафе-рестораҥҥа патруллар киирэн кофелаан тахсан иһэн, миэхэ күрүчүөхтэһиэх курдук гыммыттарын, киһим ааһан иһэн алы гынна. «Киирэн-тахсан уол оҕото быһыылаах. Туох идэлээх киһи буолла?» Соторунан мин холуочуйан киирэн бардым. Таһырдьа табахтыы туран, киһим биир киһини кытта кэпсэттэ. Эмиэ да билбэт киһитэ быһыылаах, кэпсэтэллэрэ да бэрт дьикти. Тугу да өйдөөбөтүм. «Бээрэ, бу баҕар биир куомуннааҕа буолуо. Миигиттэн тугу баҕараллара буолуой? Хайдах билиэххэ?» Кэлбитигэр киһибиттэн: -Туох киһилиин кэпсэттиҥ?»- диэн ыйыттым. Ону киһим: -Дружбан, недавно откинулся»,- диэн хоруйдаата. «Хайа дьиибэний, «опрокинулся» диэҥҥэ дылы буолан түһэн, ол аата хайаабыт киһи буолла?». Салгыы арыгылааһын кэнниттэн, аатын билбэт буола итирбит, сэбиэскэй сэриилэр сэбилэниилээх күүстэрин «дедушкаларын», арыалдьытын көмөтүнэн Дьокуускайдыыр сөмөлүөккэ «хаалаан» ыыппыттара. Ол быыһыгар, киһим сиэптэрбин хаһарын иһин кыыһырарбын өйдүүбүн: -Эн кимҥин дьэ өйдөөтүм, ол эрэн, мин сиэптэрбиттэн киһи туһанарын булуоҥ суоҕа,- диэн булдьуйан хаалбыт тылбынан нууччалыы сатыырбын киһим өйдөөбөт, хата утары кыыһырар: -Билиэтиҥ ханнаный? Хаалаары гынныҥ дии. Биирдэ өйдөммүтүм самолет иһигэр утуйа сытар эбиппин. Табаарыһым атын эрээккэ баар, кэлэн, эн иннинээҕи кириэһилэ сиэбигэр «чекушкалар» бааллар диэн сипсийэн ааста. «Ол эмиэ туохпутуй? Көрүөххэ эрэ». Сиэби хаһан таһаарбытым быыкаан бытыыккалаах буокка эбит. «Абырахтаныахха… Пахай, төттөрү итирэн хааллым дии. Утуйуохха». Чуумпуран хаалбытыгар, эмиэ уһукта биэрдим. Тула ким да суох. Ханна эрэ түһэн олоробут быһыылаах. «Бээрэ, кимнээх эрэ кэпсэтэллэр, баран ыйытыахха: -Хаһан «дедушканы» дойдутугар тиэрдэллэрий? -Стюардессалар эбит, табахтыы олороллор. -Аныгыскы түһүүбүтүгэр дьиэҕэр тиийэҕин. Төһө эрэ кыыс күүтэн эрэр,- дии-дии күлүстүлэр. -Атын пассажирдар хаһан киирэллэр? Мин табаарыспын көрбүккүт дуо? -Кинилэр манна хаалар буоллахтара дии. -Бээрэ, биһиги ханна кэллибит?-Иллюминаторынан көрбүтүм – Дьокуускай порда. Уота-күөһэ күлүмнээбит аҕай.-Хайа доҕоор, Дьоллоох Дьокуускай Эбэ Хотуҥҥа кэлэн олорор эбиппит буолбаат! Малым, малым?- диэн халахайдана түһэбин. -Эн манна түһэр эбиккин дии? Биһиги эйигин Камчаткалыыр, ол иһин утуйа сытар диибит дии,- стюардессалар соһуйаллар. -Сахабыын. Манна-манна түһэбин, малым ханнаный? -Иһирдьэ биэриэхтэрэ. Вокзалга киирэн, малбын ханна, хаһан ыларбын билбэккэбин, аллараа этээскэ миэстэ көстүбүччэ, утуйан хааллым. Биирдэ иһиттэхпинэ, миигин ханнык эрэ стойкаҕа кэл диэн ыҥыраллар да, Өймөкөөҥҥө көтөөччү дииллэрэ эрэ мунаахсытта. «Мин курдук ааттаах-суоллаах киһи атын сиргэ баарын өйүм хоппото. Соркуомаптар диэн дьиҥ муомаларга эрэ баар араспаанньа. Чэ, бара сылдьыахха, туохха даххаһыйдахтарай, «дедушканы» сүгүн сынньаппаккалар».
Тиийэн остуолларыгар чымадааммын аһан баран олороллорун көрөн: «Ээ, арба да, чымадааннаах этим дии?»- диэн эмискэ чымадааннаахпын өйдүү түһэбин. Дьэ онно эрэ өйдөөтүм, тоҕо миигин Өймөкөөн диэбиттэрин, байыаннай требованиебын (быһата байыаннайдар сөмөлүөккэ киирэр докумуоннара) тутан олороллор. Онтубар оттон Өймөкөөн оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбытым сурулла сырыттаҕа дии. «Туохтаах-туохтаах этигиний?»- диэн ыйыппыттарыгар, чымадааным бэйэтэ да наһаа улахана суоҕун үрдүгэр, аҕыйах мал толугуруу сылдьарын өр гыныам дуо, субуруччу ааҕан биэрдим. Малбын биэрдилэр да, саамай күндү «баайбын», наклейка диэн омук ырыаһыттарын переводной хартыыҥкаларын 100 устууканы, харчыбын кэмчилээн, мунньунан атыылаһан иһэрбин биирдии бэйэлэригэр (портардыын, милииссийэлиин уонтан тахсалар) биирдии хартыыҥканы, малбын «араҥаччылаабыттарын» иһин көрдөөтүлэр. Испэр: «Тыый, аата элбээбитин! Муомаҕа бэлэхтиир дьоммор тиийиэн наада, хайа уонна билэр дьонум таһынан икки сыл устата кыыс бөҕө кэллэҕэ буолуо». Хайыахпыный, сүр ыараханнык өрө тыынан баран сөбүлэстэҕим дии. Cассыарда били «бииһим» куораттан тиийэн кэллэ. Миигин аһатта-сиэттэ. Куоракка бииргэ киирэн, бырастыылаһан араҕыстыбыт. Кэлин өйдөөтөххө, киһим билиҥҥинэн «авторитет» эбит. Куоракка хас да хоннум. Биир дойдулаахтарбын булсан, «туроктары» (1-кы нүөмэрдээх СПТУ курсаннарын хос ааттара) кытта «дембели» сууйдубут аххан. Билиэт ылан баран, сөмөлүөт көтүөр диэри тугу гыныахпыный? Олус күүтүүлээх уонна долгуйуулаах күн үүннэ. «Ил-14» сөмөлүөт төрөөбүт Муомам үрдүнэн, түһээри көтө сылдьар. «Ю» хайа. Ахтыбыппыын. Кинини көрөөт, сүрэҕим толугуруу түстэ. Этэҥҥэ сиргэ түстүбүт. Манна, кыратык тохтуу түһэн дойдум историятыттан кэпсии түһүүм. Биһиги дойдубут киинтэн ырааҕа, айанын суола табыгаһа суоҕуттан да буолуо, айанньыт күндүтүк көстөрө, ол иһин, Муомам дьоно былыр-былыргыттан ыалдьытымсахтарынан-хоноһомсохторунан аатыраллар. Онон киин сиртэн кэлээччилэри: улууспут маҥнайгы үөрэхтээхтэрин, салайааччыларын, учууталларын, эмчиттэрин уо.д.а көрсөн ылар үтүө үгэс олохсуйан, өрүүтүн самолету көрсө киирэллэр. Бу да сырыыга, Хонуум дьоно, эмиэ икки сыллааҕыта атаарбыттарын курдук, көрсө кииртэр. Сөмөлүөттэн бары тахсыбыттарын кэннэ, таҕыстыбыт. -Саллааттар, саллааттар кэлбиттэр. -Хайыы, Соркуомап Сэргиэй дии, Аана үөрүүһү. -Оттон биирдэрэ Дьөгүөрэп Болуодьа эбит,- диэн суугунаһыы буолла. Өр да күүппүтүм бу түгэни. Дойдубут барахсан, аата тымныытын, баччааҥҥа диэри хаара суох сытар эбит. Мин Москуба анныгар билиэн түбэһэн баран, тоҥон такырыйбыт «ниэмэс» курдукпун. Ычча, ычча! Порпут бөһүөлэги кууһа сытар буолан массыына эҥин наадата суох, тиэтэйэ-саараайа дьиэбин былдьастым. Дьиэм барахсан көһүннэ. Салҕаммыт. Ааны аһа баттаат, иһирдьэ атыллаатым. Бырааттарым икки сыл иһигэр улаатан хороспуттар аҕай. Балтым оскуоланы бүтэрэн, маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр эбит. Сотору соҕус ийэм, кэлбиппин истэн, үлэтиттэн тыын быһаҕаһынан тыынан тиийэн кэллэ. Киэһэ аймахтар мустан, мин кэлбиппин бэлиэтээтибит. Онно ийэм бэйэтигэр буокка куттубутун соһуйа көрдүм. Иһэрин испэтэ гынан баран, урут итинник куттубат буолара. Амсайар буолбут дуу, хайдах дуу? Онтон аармыйаҕа барбыт уолаттарбыт утуу-субуу кэлэн истэхтэрин аайы, биһиги урут кэлбиттэр, барыларын «көрсүһэн» истибит. Бэйэбит «сылайан-элэйэн» кэлбит дьон, кырата биир ый «сынньанар» санаалаахпыт. Икки нэдиэлэ кэриҥинэн «иһэртэн-аһыыртан» бэйэм да салҕа быһыытыйан уонна ийэлээх эдьиийим туруорсууларынан, Германияҕа дьиҥ бэйэтигэр сулууспалаабыт байыаннай связист буолан, сопхуос киин уһаайбатыгар радиһынан үлэҕэ киирбитим. Үлэм наһаа сылаата, кирэ-хоҕо суох, сарсыарда, киэһэ ыстаадалары кытта сибээстэһэбин уонна кинилэр илдьиттэрин тойотторго-хотуттарга тиэрдэбин. Онтубун да сүгүн-саҕан үлэлээбэппин. Кадр отдела эдьиийдээх буоламмын, киниэхэ солбуттарарым үксээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, эдьиийим (аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийэ) барахсан, мин туспар элбэхтэ сүүрбүтэ-көппүтэ, бу да үлэҕэ киирбитим кинитэ суох буолбатаҕа. «Муома» сопхуос, мин үлэлиир кэммэр, саамай аатыран олорор кэмэ этэ. Сопхуос дириэктэрэ сьезд делегата буолан, араас знамя, бэлиэ бөҕөтүн ыла олороро. Хайдах эрэ дьон-сэргэ үлэлиир баҕата, били өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн дьоҥҥо үчүгэй олох кэллэ диэн өрө көтөҕүллүүгэ майгылыыра. Киин уһаайбалар наһаа иллээхтэрэ: үлэ буоллун, сылын аайы ыытыллар самодеятельнай коллективтар фестивалларыгар, араас субуотунньуктарга бары көхтөөхтүк кытталлара. Бырааһынньыктары бииргэ ыларбыт Оройуоммут хааччыллыыта олус үчүгэй этэ. Оҕуруот аһын, фрукта эгэлгэтэ маҕаһыын прилавога хотойорунан тэлгэнэ сытара. Эти тэпсэ сылдьан талаллара: сыалаах, сыата суох диэн. Арыгы аска холонооччу элбэҕэ: «Аһы ас курдук», «Бырааһынньык буолан баран хайаан аһа-таҥаһа суох буолуой», «Аһаан-сиэн үөрдүбүт-көттүбүт», «Бэлиэтиэххэ», «Сууйуохха-сотуохха» диэн арыгылааһыҥҥа сыһыаннаах тыл-өс дэлэйбит этэ. Бырааһынньыктар, малааһыннар, уруулар, үбүлүөйдэр тиһигин быспакка субуһаллара. Испэт киһини аһаҕастык да буолбатар, туора көрөллөрө. Ол гынан баран, аһара барааччыны мөҕөллөрө-этэллэрэ, ол эрэн олох иһимэ диэбэттэрэ. Кырдьаҕастар: «Мин курдук иһиэххин, үлэҕэр, дьиэҕэр-уоккар мэһэйдэппэт гына» диэн сүбэлииллэрэ. Арыгы арааһа элбэҕэ, сыаната чэпчэкитэ, нууччалардыы эттэххэ «пей, не хочу». Оннук «иһэрин ис да, үчүгэйдик ис» диэн политика түмүгэ билигин кэлэн дьайа турар дии саныыбын. Ол сахха испит-аһаабыт дьоннор, иитиитин соҕотох ийэлэргэ сүктэрэн кээспит оҕолоро, билигин бэйэлэрэ оҕолонон-урууланан, аҕаларын, эһэлэрин «туйахтарын хатара» аҕай сылдьаахтыыллар. Эмиэ бэйэлэриттэн ордон оҕо иитиитигэр кыһамматтар. Арыгылааһын саҥа эдэримсийэн эрэр кэмэ этэ. Бу иннинэ биирдиилээн саастаах эрэ дьон утумнаахтык дьарыгырар «дьарыктара» этэ. Аармыйаттан кэлэрбитигэр оскуола оҕолоро иһэр буолбут этилэрэ. Манна биһиги куһаҕан өттүнэн холобур буолбуппут мэлдьэҕэ суох. Барыта көр-нар курдук этэ гынан баран, билигин онтон кыбыстабын ахан. Арай эп-эдэр, муус чэгиэн саллаат уолаттар кэлэн: «Пахай, арыгы диэн олох хаалынньаҥа эбит, аны иһиэ суохпут»,- диэбиппит буоллар, элбэх киһини бу хара дьайтан тэйитиэхпит хааллаҕа. Биһиги кыракый бөһүөлэкпититтэн уонтан тахса уол диэмбиллэммит буолан, кэлин хас-хас көлүөнэ саллаат диэмбили маннык сууйаллар диэн куһаҕан өйдөбүлү хааллардахпыт.
Үһүс түһүмэх.
Сууллуу уонна өрүһүллүү. Дьыбардаах хараҥа түүн, Көмө көрдүүр көдьүүһэ суох…
Анатолий Старков.
Тоҕуһуонус сыллар бүтүүлэрэ. Мин биир нэһилиэккэ көмөлөһөр оҕобунаан тэлэбиисэр өрөмүөннүү сылдьабыт. Дьиэлээх киһи биһиги үлэлиирбитин саҥата суох көрөн олорбохтоон баран ыйытта: -Ити илиилэргин туохха оһоллообуккунуй? Итинник ыйытыылары бэйэтэ улаханнык испэр киллэрбэппин да буоллар бу сырыыга сааһырбыт киһиэхэ көнөтүнэн: -Кыһын итирэн охтон хаалан, үлүппүтүм,- диэн быһаарбытым. -Эдэр киһи иэдэйээхтээбиккин…Кэмсинээхтиириҥ буолуо? Миигин истэрбэр аһыналларын сөбүлээбэппин, ол иһин хаҕыс соҕустук: -Кэмсинэн да хайыахпыный, буолар буолтун кэннэ. Хата, билигин таҥараҕа махтанабын. -Айыы, бу айылаах буолан баран туох диэн эттэҥий? -Оттон мантан атыннык өйдөммөт буоллахпыт дии. -Дьэ буоллаҕа…Бу арыгы алдьархай бөҕөтүн оҥорон эрэр,- диэтэ оҕонньорум үөһэ тыынан баран. Ити киэһэ түспүт ыалбар утуйаары сытан, элбэҕи эргитэ санаабытым.
Дьоллоох Дьокуускай куорат. 1989 сыл. Ахсынньы аам-даам тымныыта Улуу Туймаада хочотун сабардаан турар. Мин сибээс техникумар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьабын. Аҕам Арадьыыс Сиэнньэ туйаҕын хатаран, сибээс үлэһитэ буолуохтаахпын. Мин хайдах эрэ почта дьиэтигэр төрөөбүт курдукпун: сургуус икки, канифоль икки уонна лаампалар сылаастарыттан сылыйбыт аппаратура сыта, миэхэ оҕо сааспыттан ыла иҥэн хаалбыттар. Ол иһин эбитэ буолуо, улааттахпына муоранан устааччы, айанньыт, байыаннай, космонавт буолуом диэн баҕа санааларым оннугар, аҕам анаан да буолбатар, уһуйбут идэтигэр, син-биир тардыһа турарым. Биһиэхэ түһэр сибээс үлэһиттэрин барыларын билитэлиирим. Оттон кинилэр миигин бэйэбит уолбут, сибээс киһитэ дииллэрэ. Урут почта дьиэтигэр сибээстэр почталары кытта бииргэ үлэлииллэрэ, уопсай ааттара почталар диэн буолара. Биһиги Төбүлэххэ почта аҥаарыгар олорбуппут. Үөрэхпин сөбүлүүбүн. Бэйэм талбыт идэм буоллаҕа. Дойдуга «перестройка», «гласность», «ускорение» бөҕөтө. Арыгыны утары охсуһуу үгэнэ. Барыта толуон, хаайыы-хааччах үлүгэрэ. Хата, бу киин куораппытыгар харчылаах киһиэхэ ырай олоҕо. Биһиги тыалар, үп-харчы көҥүллүүрүнэн туттумахтаан хаалабыт. Оччотооҕу иһэр-аһыыр эрэ барыта билэр, аатырар «Боккуобалара». Манна сибээс электротехникумун төрдүс курсугар үөрэнэр «эрэттэр» тугу эрэ «сууйан», аһаан-сиэн чалбардыы олоробут. Былдьаһа-былдьаһа күргүөмүнэн саҥарабыт, маат-куут, чабыланыы, аҕала сатыы-сатыы алларастааһын, өйдөөҕүмсүйүү, күүһүнэн өттөйүү кытаанаҕа. Үөрэхпитигэр тылбытынан «преподтарбытын» да баһыйдыбыт бадахтаах. Бүгүн сымыйа-кырдьык икки ардынан үөрэнэн баран, бу күннүү-күөнэхтии олордохпут. Ким да буойбат-хаайбат, «көҥүл» олох. Бэйи манна кыратык туораан, дойдубар буола турар быһыыны-майгыны ойуулаатахха сатаныыһы. Арыгы толуонунан эрэ бэриллэр. Толуону үлэлиир сириҥ нөҥүө түҥэттэрэллэр. Дьэ манна буолар аҕыс айдаан-араллаан. Сороххо арыгыһыккын диэн матыыптаан, көрдөрө матараллар. Били бэйэлээҕиттэн маппыт сордоох, ханна да үҥсүһэн-сууттаһан, этиһэн-охсуһан, кырдьыгын булбат. Ким арыгыһыты истэ сылдьыай. Түмүгэр, синэ биир диэн, умайары барытын иһэн алкоголик дьаралыгын дьэ букатыннаахтыы сүгэр. Маҕаһыыннарга одеколоннар, лосьоннар, өстүөкүлэ ыраастыыр, статическай электричествоны сүтэрэр убаҕас, аптекаҕа настойка арааһа уо.д.а турбат буолтара. Сатыыр-сатаабат быраагаһыт, самогуонньут буола түспүтэ. Саахар дефициткэ кубулуйбута. Киһи куртаҕа, айылҕа эмиэ биир таайыллыбатах таабырына быһыылаах. Ол үлүгэри хайдах тулуйаахтыыра буолла? Бэйэ-бэйэбитин сутуйсан, көҕүтүһэн, дьэ манна баҕас түмсэбит, кэккэбитин хаҥатабыт. Уопсайынан арыгыһыт сордоох, хаһан баҕарар, мин эрэ маннык буолуом дуо, атыттар эмиэ истиннэр ээ диэн ханыы тардынар аатыгар сылдьар. Ханна эрэ төбөтүн түгэҕэр сыыһарын өйдүүр, ол гынан баран, кини бэйэлээх хайы үйэ алкоголик буолбутун билиммэт. Ол иһин атын дьону сутуйан иһэрдэ сатыыр: төһөнөн үрдүк сололооҕу сутуйар да, оччонон үчүгэй, (холобур, ханна эмит тойоннуу сылдьыбыттар, кыра эмит ситиһиилэнэ сылдьыбыт спортсменнар, артыыстар, суут-милииссийэ үлэһиттэрэ, медиктэр уо.д.а) оннооҕор кинини кытта иһиспитим, ол кини эмиэ иһэр диэн буолар. Аны толуонунан ылааччыларга эмиэ биир кыһалҕа. Бэйэтэ испэт буоллаҕына, иһэр аймаххар, оҕоҕор, оҕонньоргор толуоҥҥун уурарыҥ булгуччулаах курдук балаһыанньа бүрүүкээбитэ. Онно элбэх испэт киһи, ордук дьахтар аймах иһээччи буолбута диэн буолар. Ону кытта мин сөбүлэспэппин. Бэйэбинэн оҕустахпына: ийэм эмээхсин, кэргэним нуормаларын, хаһан уонна төһөнү ылбыттарын ааҕа билэр этим. Бэйэбиттэн ордорон, испэт дьоммор бэрсэ оонньуу сылдьыам этэ дуо. Хата, бытыылка оччолорго дьиҥнээх валютаҕа кубулуйбута. Туох эмэ үлэни оҥорор буоллаххына хамнаскын харчынан эҥин ылбаккын, бытыыкканан ылаҕын. Горбачев, баҕар, үтүө санаанан салайтаран таһаарбыт уурааҕын, бэйэлэрэ иһэр-аһыыр дьон дьэ итинник тиэрэ эргитэн, талбыт киһилэрин «алкоголик» дьаралыктаан, дьону өсөһүннэрэн, төттөрүтүн бытыыкканы таҥара кэриэтэ оҥорон, алдьархай бөҕөтүн тарпыттара. Биһиги тэрилтэҕэ толуону тарҕатыынан кадр отделыгар үлэлиир дьахтар уонна бухгалтерия дьарыктаммыттара. Онтуларбыт, сэниир соҕус дьоннорун толуоннарын быһан, бэйэлэрэ туһаналлара. Таарыччы, оччо-бачча алкоголигы уодьуганнаатыбыт диэн чиэс-бочуот үрдүгэр сылдьыбыттара. Аны, сороҕор, бииргэ аһыыр-сиир киһигэр толуон биэрэн өһү-сааһы тэрийэллэрэ. Киниэхэ биэрбиттэр, оттон миэхэ?! Дьэ булан иһэр эристиин буолуохтаахпын. Тэрилтэбит үлэһиттэрэ, салайааччылара нууччалар буолан, аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктар - биһиги, дьаарай арыгыһыттарга киирсибиппит. Онно эбии бэйэбит да киирэн биэрэрбит оҕото сыттаҕа дии. Самогон оҥорооччулар, «туочукалар» диэннэр үөдүйбүттэрэ, күннэрэ тахсыбыта. Биһиги арыгыга сиэммит төбөбүтүгэр: «Чэ, кинилэр да толуоннара суох, булан итириэхпит»,- диэн акаары санааттан атын киирбэтэҕэ. Бэйэбит курдук «атаҕастаммыт-баттаммыт» дьон мустан, умайары барытын ыймахтыыр сыалга-сорукка киирбиппит. Ити «астары аһаабыт» киһи, туох да омуна суох иирэр, тугу гынарын билбэт, өйдөөбөт буолар. Ордук «Лана» диэн таҥас электричествотын үмүрүтэр суурадаһыны иһии үөдүйэ сылдьыбыта. Онно туспа, ону астыыр, нууччалартан «специалистардаах» этибит. Бу сүлүһүн амтана билигин да кэлэргэ дылы. Билигин санаатахха, сүрдээх дьон эбиппит. Киһи иһэр баҕаттан көстөн турар дьааты иһигэр куттара диэн киһи өйдүөбэт дьыалата... Биирдэ үлэбэр, эмиэ убайдарбын кытта «Саша» диэн одеколону күнү быһа иһэн, сүһүрэн, ис организмым барыта тиэриллэн тахса сыспыта. Итинник «астаах» буоллахпытына, кимиэхэ барытыгар иһэрдэ сатыырбыт, сыаната да удамыр, көстүмтүө уонна оннук «аһы» соҕотоҕун апчарыйар киһи, иһээччилэр да ортолоругар оччо-бачча биһирэммэт этэ. Ол оннугар маҕаһыын буокката көһүннэҕинэ, кими да кыттыһыннарбакка буола сатыырбыт. Эбэтэр ким эмэ күндүлээтэҕинэ, уора-көстө ордук иһэ сатыыгын. Сороҕор, онтон сылтаан улахан иирээннэр, охсуһуулар тахсааччылар. Дьэ онно-манна тиийээхтиир эбиппит, ама да ааспытын иһин! Төһө киһи сүһүрэн өбүгэлэригэр аттаммыта биллибэт: үксүн үрдүттэн, сүрэҕэ тохтообут (өлбүт киһи сүрэҕэ тохтуура биллэр буоллаҕа) диэн буолара. Санаан да көрдөххө, ол үлүгэрдээҕи хайдахтаах сүрэх тулуйуой? Тулуйбата чуолкай буоллаҕа. Барыта арыгыттан сылтаан алдьархай тахсар, ону арыгыны сыһыарбакка, сүрэх бэйэтэ буруйдааҕын курдук этэллэр. Арыгы сыаната кэрээнэ суох үрдээбитэ. Эбиитин хаачыстыбата олох да куһаҕан буолбута. Били, соторутааҕыта аҕай соҕуруунан эргийэн, кэһии бөҕөтүн сүгэн кэлэр биир мөһөөхтөөхпүт, биир бытыыккаҕа да тиийбэт буолбута. Тула арыгылаан баран өлүү-сүтүү, өлөрсүү бөҕө тэнийбитэ. Арыгы толуонугар тииһинээри нэһилиэктээҕи аймахтары эмиэ кэрийэрбит да, олоруҥ эмиэ бэйэлэрэ иһээччилэрдээх буоллахтара, чугаһаппаттара. Мин авиапортка үлэлиибин. Портарбар ону-маны чөлүгэр түһэрэн, «көмүс илиилээх» аатыран, син толуоннанар этим. Аны биир нуучча уолун кытта албын толуон оҥоһуутунан дьарыктанныбыт. Сельсовет бэчээтин кытта үтүгүннэрэр этибит. Дьэ кыһалҕа диэтэҕиҥ. Ол саҕана арыгы маҕаһына ыйдааҕы толуона элбээн тахсан, айдаан буолла диэн иһиллэн ааспыттаах. Билигин санаатахха, убайдарбыт барахсаттар, алҕаһатан, биһиэхэ, аҕыйах ахсааннаах омуктарга өйдөнөрбүтүгэр, харыстанарбытыгар, муҥ саатар кыратык эмэтик тохтуу түһэрбитигэр, нууччалыы эттэххэ «шанс», түгэн биэрэ сылдьыбыттарын, биһиги кэнэммитигэр өйдөөбөккө хаалаахтаабыппыт. Күлүкпүтүгэр имнэнэн баран, кырдьык биһиги «аспыт» буолбатах эбит, бэйэҕит «апчарыйыҥ» диэххэ баара, ааттыын да «Русская водка» диэн дии.
.
Ответов 8
Фонд 10 февраля 2019 Олох биирдэ бэриллэр. Сэһэҥҥэ ааптар эдэр сааһыгар куһаҕан дьаллыкка ылларан, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйан, арыгы дьиҥнээх сиэртибэтэ буолан олоҕун айгырата сыспытын туһунан дьиҥ кырдьыгынан суруйар. Дьон-сэргэ, чуолаан үүнэр көлүөнэ, арыгы аҕалар алдьархайын өйдөөн, биирдэ бэриллибит олоҕун дьоһуннаахтык олороругар сүбэлиир. Көмө фондата white right pointing backhand index https://qiwi.me/knigaolox
0
ЗОЖ 11 февраля 2019 Cалҕыыта
Хата, бэрт суһаллык, ол сыыһаларын өйдүү охсон, билигин кыраны-хараны сэриитэ, хаана-сиинэ суох симэлитэр бэлиитикэлэрин түргэн үлүгэрдик эргитэ охсон, туох да буолбатаҕын курдук оҥорон кэбиспиттэрэ. Сессиябар кэлэрбэр, оройуоммутугар арыгы мээнэ көстүбэт буолан, биир бииргэ үлэлиир нууччам бэйэ оҥоһуута арыгынан күндүлээбитин, арахпакка (оччо тылламмыты хайаан мүччү тутуомуй, айыы даҕаны) түүннэри исиһэн, нөҥүө күнүгэр сөмөлүөппэр авиапорт эрэ үлэһитэ буолан олордубуттара, итирик айаннаабытым. Куоракка кэлэн түспүппүт, малым мэлигир. Хаандыгаҕа хаалла эрэ, Муомаҕа мэлиттилэр эрэ, туох билиэй. Онтон-мантан ыйыталаһан көр, авиапорт үлэһитэбин эҥин диэн өҥнөнөн көрдүм да малыйдым. Бадаҕа авиацияҕа мин саҕа өҥөлөөх элбэх быһыылаах, кымаардаан да көрбөтүлэр. Били хонтуруолунайдар эрэ, сах эрэ, хайа, куоракка кэлбит киһи туох эрэ мал ыралаах буолуохтаах этим буоллаҕа дии. Хата, харчы дуомнааҕым, докумуоннарым бэйэбэр буолан сүппэтэхтэр. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум миигиттэн тугу эмэ устуохпут диэн астынан күүппүттэрэ кураанах хаалан соһуйбуттара. Итэҕэйимээри тииһэллэр, үөнүҥ буолуо дэһэллэр. Өйүм-санаам, хайдах эрэ, барыта арыгы буолан онно эрэ кыһаммат. Сиэссийэм садаанньаларын хос оҥорор, сүтэрбит кинигэлэрбин төлүүр уо.д.а кыһалҕалар быһаарыыларын кыайан уйбакка, ону барытын арыгынан саптынар, чэпчики соҕус суол буолуо. Арыгыһыт сордоох туох эбит ыарахаттары көрүстэҕинэ эрэнэрэ-харыстатара, арыгыта эрэ буоллаҕа. Аатын-суолун умнуор диэри арыгы истэ да бүтүүтэ. Кыһалҕаны, эрэйи-муҥу барытын умнар буоллаҕыҥ. Итириктии сырыттаххына кыһалҕаҥ, баҕар ааһан хаалыа, эбэтэр эн оннугар ким эрэ атын быһааран кэбиһиэ. Сорудахтарбын сымыйанан-кырдьыгынан, устан-тараан да буоллар оҥостубута дуомнаабытым. Уолаттарбын быһа аһыахха-сиэххэ диэн хаайан, бу «Боккуобалаан» олоробут. Сыыйа түүлэ да, илэтэ да биллибэт буолан барда. Эмиэ да «Боккуобабытыгар», ол быыһыгар эмиэ да автовокзалга баарбын. Дьонум эмиэ да уларыйсар курдуктар: бииргэ улааппыт, өр көрсүбэтэх доҕотторбун көрсүһэргэ дылыбын. Оҕо сааһым доҕоро Коляны көрүстүм быһыылаах дуу, хайдах дуу? Түүн үөһэ биирдэ өйдөөтөхпүнэ, уолаттарым оннугар, хайа эрэ нууччалардыын булсан, кинилэр хампархай массыыналарыгар тиэллэ сылдьар этим. Ол сылдьан, дьиэбиттэн бүтэһик икки мөһөөхпүн ылан тахсыбытым. Харчыбар булбут, бэрт саарбах, бөрүкүтэ суох дьүһүннээх да, амтаннаах да, самогуон диэннэрин нууччаларбынаан иһэн-аһаан ньамахтана олоробун. Бадаҕа, бэркэ диэн тапсабыт быһыылаах. Дьиэм таһыгар тиэйтэрэн аҕалтаран баран, били «аспытын» тобоҕолоон, ибили табаахтаан баран, мин быраһаайдаһан-бакаалаһан түһэн хааллым. Чочумча байааттаҥныы турбахтаат, санаабар дьиэлээтим… Биирдэ өйдөнө дуу, уһукта дуу сылдьыбытым тоҥ чигдигэ умса сытар курдугум, илиилэрим тоҥмуттара диэн сүр, тура сатаан көрбүтүм – кыаллыбата. Ол быыһыгар ытыыр-соҥуур былаастаах, хаһыытаан-орулаан көрдүм да - туһа суох. Ол курдук түүлүн да, илэтин да быһаарбакка эмиэ туман быыһыгар киирэн сүттүм… Биирдэ өйдөммүтүм: ханнык эрэ тепляк иһигэр баар курдук буоллум, тимир оһохтоох быһыылаах. Илиилэрбин онно сырайа сатыыбын, ол быыһыгар, туох буолбуппун, өйбүнэн-санаабынан да буолбатар, эппинэн-хааммынан сэрэйэн, ытаан-соҥоон ылабын. «Скорай» эҥин дэһэр саҥалар иһиллэллэр. Ити курдук түүл-бит аҥардаах сылдьан, эмискэ балыыһатыҥы сиргэ баар буолан хааллым. Бу тухары, итии сиргэ киирдэҕим аайы төттөрү итирэн иһэбин дуу, өйбүн сүтэрэбин дуу, билбэтим. Ити курдук түмүктэммитэ миэхэ 1989 сыл, ахсынньы 13 күнүнээҕи түүнэ. Кэлин, биир билэр киһим, ол күннээҕи гороскоппун көрөн баран, иһиэ суохтаах эбиккин диэбитэ. Ону испэр: «Арааската, гороскоптан наһаа иҥнэн турбатах бэйэм инибин»,- дии санаабытым. Куорат травматологическай пуунугар киллэрбиттэр этэ. Мин дьиэм таһынааҕы, саҥа тутулла турар дьиэлэр аттыларыгар тиийэн охто сытарбын, сарсыарда үлэлии кэлбит тутааччылар буланнар, «скорай» ыҥыттаран, тыыннаах хаалбыппар махтал буолбут. Массыына иһигэр арыгы иһэн, табах тардан, массыына гааһынан тыынан баран, эмискэ ыраас салгыҥҥа тахсан өйбүн сүтэрбиппин быһыылаах. Ол иһин дьиэбэр буолбакка, нөҥүө барар эристиин буолан биэрдэҕим. Хаһан да охтор диэни билбэтэх бэйэбин, ол түүн арыгы обургу, миигин кыайардыы кыайбыта…
Пууҥҥа бастакы түүммүн куһаҕаннык өйдүүбүн. Хабыс хараҥанан харбыалаһан кыраантан уулаан киллиргэтэрим эрэ баар. Иккис күммэр туохха-туохха түбэспиппин син удумаҕалаттым. Күндү ааҕааччым, итэҕэй, арыгы аҕалар алдьархайын хайдах баарынан, кырдьыгынан суруйабын. Баҕар, сорох сиринэн ааҕарга ыарахан буолуо гынан баран, мантан атыннык суруйдахха санааҕа ситэтэ суох буолсу. Илиилэрбин испииринэн илитиллибит маарылланан эрийбиттэрэ. Онтукайым илиим тириилэрэ хабыллан тахсыбыттарын тэһитэ сиэн, сыта-сымара сүрдэннэ. «¤уу, бу испиирт сыта куһаҕаныан, хайдах маннык үлүгэри испитигэр куттарбыт буолла? Хата, мантан сылтаан арыгыбын быраҕыыһыкпын»,- дии санаабытым да, хантан... Илиилэрбиттэн уонна хаҥас атаҕым улахан тарбаҕын төбөтүттэн ураты тугум да эмсэҕэлээбэтэх. Илиилэрим бүлгүннэрбэр диэри бэрэбинэ курдук үллэн таҕыстылар. Онтуларым түүн тииһиктээн утуппатылар. Футболкабын устан кэбиһэр өй киирээхтээбэтэҕэ, сиэхтэрэ быһа киирэн биир сор буолла. Сол курдук, уруккута үрүҥ өҥнөөх футболкам хааннаах ириҥэ, көлөһүн иҥэн, дьүһүнэ уларыйан, илиим искэннэрэ ааһыахтарыгар диэри уһуллубакка сылдьыбыта. Палаатаҕа бииргэ сытааччыларбыт сорохторо кыайан турбаттар. Ол иһин стеклянкаларга ииктээн баран, киирэр-тахсар дьонунан, чугастыы раковинаҕа сүөкэттэрэллэр, били мин бастакы түүммэр уулаан киллиргэтэр сирбэр. Палаатабытыгар эмсэҕэлэммит араас ыарыһах баар: умайбыт, үлүйбүт, охтубут, сууллубут, кырбаммыт, эчэйбит бары. Саҥа киирээччилэр арыгыларын-табахтарын, өлөр-тиллэр былдьаһыгар таҥастарыгар ыһыктыбыттар, арыгылааһынтан ордон суумматах-тараамматах дьон сыттара буккуһан, сыппыт-сымарбыт диэн амырыын. Сытан эрэн тахсан киирээччи элбэх. Сорохтор, сиэстэрэни күүтэ сатаан баран, төлө ыытан кэбиһэллэр уонна ол курдук ким эрэ кэлэн уларытыар диэри күҥкүйүү! Тура сылдьааччылар киирэ-тахса сылдьабыт. Көрүдүөргэ умайбыттар, үлүйбүттэр өҥнөөх ойуулара истиэнэҕэ ыйаанан тураллар, ону сиргэнэ-сиргэнэ көрөбүт (аҕыйах хонугунан бэйэбит илиибит-атахпыт маннык буолан тахсыа диэхпит дуо?). «Балары арыгы атыылыыр сирдэргэ ыйыыллара буоллар,- дэһэбит.- Баҕар, биир эмэ киһи туттунуо эбитэ дуу?»
ЗОЖ 11 февраля 2019 Палааталар, көрүдүөр бэрэбээскилээх дьонунан тобус - толорулар. Сэрии буолбутун курдук дьаабы. Оһоллонооччулар быыһа-арда суох киирэ-кутулла тураллар. Киирээччилэр бары да кэриэтэ, улахан итирик, эбэтэр ситэ өйдөнө илик буолаллар. Маатыры-куутары, үөхсүү бөҕө, сорохтор охсуһаары чиччигинэһэллэр. Туораттан көрөн бэккиһиигин да, бэйэм манна киирэрбэр кинилэртэн туох да атыным суох үһүбүн. Аата, сүрүн баҕаһын! Киһи кыбыстыах! Ол эрэн, наһаа ити бүппүт «алкаштар» курдук буолбатым ини? Атахтарым үчүгэй курдуктар этэ да, биир күн үктэннэрбэт буолан хааллылар. Бэрэбээскилэрбин сүөрэллэригэр сорох тыҥырахтарым, сыһыарылла сылдьар курдук, туллан кэллилэр. Сорох дьон илиилэрин тыҥырахтара эмиэ оннук биинтэни кытта сараланан кэлэр. Кэлин билбитим: ол быыһанар илиилэр эбит. Тыҥырахтар кэлин хаттаан үүнэллэр гынан баран, ханнык да маникюр-педикюр көннөрбөт модороон, халыҥ, эриллэҕэс, кыптыый хоппот, эбиитин хараарбыт курдук буолаллар. Тарбахтар такырыйа оһоллор, сүһүөхтэрэ үллэн баран, оннук хаалан хаалаллар, урукку имигэстэрин сүтэрэллэр. Тымныыны, итиини барытын билэ, ыалдьа сылдьар буолаллар. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги ортобутугар, аҕыйах да буоллар, дьахталлар бааллара. Бу барахсаттар илиилэрин-тарбахтарын быстарбатахтара гынан баран, бука тарбахтарын дьонтон кистии сатыыр сорго-муҥҥа сылдьаахтыыллара буолуо. Үлүйбүт илиилэрим харааран, түүн тэһэ бараннар, онто да суох кирдээх утуйар таҥаһым, араҥас өҥнөөх, хаан-ириҥэ булкаастаах убаҕаһынан ньамахтанна аҕай. Ыарыыта диибин диэн, ыһыытыах санаам кэлэр, сымыһахпын тииспинэн быһа ытыран нэһиилэ тулуйабын: «Айаккабыан!.. Хата, ситэри эркиҥҥэ дуу, радиаторга дуу сырбатыам ээ!.. Илиилэрбиттэн син биир матар буоллум быһыылаах». Аны туран дьиэбит гааһынан оттуллар буолан итиитэ үлүгэр. Сороҕор, стеклянка иһигэр миини кутан баран радиатор үрдүгэр уурдахха, электроплиткаттан итэҕэһэ суох сылытар. Илиилэрбин өрө уунан сыттахпына ыарыым намырыйар курдук буолар да, төһө өр оннук сытыахпыный, тулуйбаппын, мөхсөбүн аҕай. Арыт, араҕас ньалахай хааннаах ириҥэ таҥаска тохтубута сойбутун үрдүгэр, сыттахха, ыарыым эмиэ намырыырга дылы гынар. Көрөр киһитэ суох иэдэйииһикпин. Дьэ мин аҕай диэн даххаһыйан, арыгынан утахтанан бэйэбин да, дьоммун да эрэй бөҕөтүгэр тэптим быһыылаах. Кыһыйбытым-абарбытым иннигэр аны кэлэн хайыахпыный?! Түспүт ыалбар, быраатым аахха, ханна баарбын биллэриэх эбиппин да, хайдах сибээстэһиэх муҥум эбитэ буолла: телефоннара суох, куорат түгэҕэр олороллор. Аны биир кыһалҕа күөрэйэн таҕыста - тахсан киирээһин. Үлүйбүт илиилэрбинэн ыстааммын түһэриннэхпинэ да, аны кыайан тардыммаппын. Улахаммар сырыттахха кэннибин хайдах соттобун, дьэ эрэй бөҕө буолсу. Барыта арыгыттан. Тоҕо эрэ иһээхтээбитим буолла? Бастаан утаа нэдиэлэ курдук арыгылаабыт киһи тугу аһыай. Онтон эдэр организмым син биир аһылык көрдүүр буоллаҕа. Аһылыкпын көҕүрэтэн, тулуйа-тулуйа сылдьарга күһэлиннэҕим дии. Эрэйдэнним аҕай. Киһи кыбыстыах, улаханын тахсан киирэ олорор киһини көрөн, испэр ымсыыра саныыбын. Дьоллоох… Сороҕор түүн сыт-сымар, араас баттатыы-үлүгүнэйии, маат-муут, кыбдьырыныы-хабырыныы ортотугар уум көтөн, туохха-туохха түбэспиппин ырыта сатыыбын. Арыт хараҥанан туһанан, бэйэбин аһынан, саҥа таһаарбакка эрэ, ытаан-соҥоон ылабын. Иһээччи сордоох наар буруйдааҕы көрдүүр буоллаҕым дии. Бэйэм эрэ буолбатах. Кырдьыга, кэлэрим саҕана, кэргэммин кытта бурайсан, үлэлиир сирбэр хоно сылдьан кэлбитим. Ол содула диэн буоллаҕа… Арай биир күн, оргуйбут ууга буһан сытар сиэнин көрсүһэр, Үөһээ-Бүлүү дуу, Бүлүү дуу кырдьаҕаһа, бэйэтин наадатыгар куоракка тахсарыгар, дьонум ханан олороллорун ыйдаран-ойуулатан, миигиттэн сурук илдьэ барда. Мин күнү быһа оҕонньорбун кэтэһэн бөҕө буоллум. Быраатым аах дьиэлэрин булуо дуо? Кини тиийэригэр дьиэҕэ киһи баар буолуо дуо? Арай киллэрбэтинэр куорат ыала? Ити курдук араас боппуруос күн устата миигин үүйэ туттулар. Айыы Таҥара, баар эрэ буолларгын, барытын этэҥҥэ гыннаргын... Кырдьаҕаһым барахсан киэһэлик төннөн, дьоммун булан, илдьиппин тиэрпитин истэн, үөрбүппүн эриэхсит. Бу кырдьаҕаспар махталым муҥура суох этэ, хомойуох иһин, аатын-суолун умнубуппун. Дьонум, кийиитим барахсан кэлэннэр ытаан-соҥоон бараахтаатылар. Аныгыс, дойдум рейсинэн кэргэним кэлэр буолбут. Инньэ гынан дьэ күнүм таҕыста. Быраатым ааҕы эрэй бөҕөҕө тэппиппин, миигин көрдөөн куорат бары куһаҕан сирдэрин кэрийээхтээбиттэр: милииссийэлэри, балыыһалары (мин сытар сирбэр, куораттары эрэ киллэрэллэр диэн, кэлин сылдьыахтаахтар эбит), муордары, ол тухары утуйар уу көттөҕө, аһыыр ас амтана мэлийдэҕэ. Кэлин дьиэлэр анныларын өҥөйө сылдьар буолаахтаабыттар. Быраатым эрэйдээх билигин суох, кийииппиттэн Наташаттан, хойутаан да буоллар, кинилэри эрэйгэ тэппит ыар буруйбун, кыаллар буоллаҕына, бырастыы гынарыгар, таҥара нөҥүө көрдөһөбүн. Быраатым барахсан төрүт сымнаҕас киһи бырастыы гыммыта буолуо да, көнө муҥутаан, бэйэтин буруйдана сылдьан айаннаабыт буолуохтаах. Күн аайы бэрэбээскэҕэ олорон, бэйэ-бэйэбитигэр диагноз туруоруунан дьарыктанабыт. Таспытыгар уоскутуһабыт гынан баран, испитигэр бэйэбит киэнэ быһыллыбата буоллар диэн баҕа санааҕа сылдьабыт. Мин илиилэрим харааран таҕыстылар, кырыыларынан ириҥэлээх хаан оҕуолуу сылдьар. Быһыыһылар быһылаах да, испэр син биир итэҕэйбэппин. Хайдах да, мин бэйэлээх илиилэрэ суох сылдьарым өйбөр олох киирбэт. Кэргэним кэлэн айдаардаҕына эмтээн үтүөрдэллэр ини. Көрүүтэ-истиитэ суох эрэйдээхтэри түргэн-түргэнник, лэппийэрин лэппийэн, быһарын быһан иһэллэр. Мин биир илиибин нэдиэлэ курдугунан быһыахтаах этилэрэ. Арай биир сарсыарда маҥан халааттаах кыыс бөҕө киирэн кэллэ. Биир бааһынайдыҥы, ачыкылаах, саҥарбыт-иҥэрбит дьахтар кэнниттэн сылдьан биһигини кэрийэн көрөллөр, үлүйүүбүт-умайыыбыт степеннэрин эҥин ырыталлар, быһаараллар. Онтуктарбыт студеннар эбит. Кыбыстан да диэн, ханна бараахтыахпытый, нэлэйэн баран олороохтоотохпут дии. Салайааччыларын маннааҕылар бэркэ билэллэр быһыылаах. Мин хаһан быстарарбын уонна төһө өр сыппыппын ыйыталаһан баран, хайдах нэдиэлэ эрэ сыппытын кэннэ эппэрээссийэлиигит диэн, айдаан бөҕөтүн тарта.Үлүйбүт киһини, үлүйүү кыраныыссата тахсыар диэри, кырата икки нэдиэлэ курдук күүттэриэхтээх үһүлэр. Эрдэ быһылыннаҕына, үлүйүү, эбэтэр өлбүт эт тахса турар, хос-хос быһыллыан сөп үһү. Мин онон сүгэ түһүөр диэри сынньанар «дүлүҥ» буоллум. Кэлин, хос-хос быстарар дьону көрдөхпүнэ, ол кып-кыратык миэхэ көстөн ааһаары, холооно суох улахан үтүөнү оҥорбут (хомойуох иһин аатын да билбэппин) барахсаны өйдүү түһэбин. Итинник бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт, бэриниилээх дьоммут элбии тураллара буоллар. Хайдах да буолбутун иһин, кэргэним кэлэригэр лэппиллибит илиилээх тоһуйтум буоллар киниэхэ да, бэйэбэр да ыарахан буолуо этэ. Баҕар, быһыллыа суохтааҕын быһан кэбиспиттэрэ буолуо дии. Билигин син бэйэтэ көрөн истэн, быһыллыахтаах быһыллыбыта диэн сырыттаҕа. Онуоха эбиитин эрдэлээн, эппэрээссийэм табыллыбакка, хос-хос быспыт буоллунар? Баҕардар, мин бэйэм тулуйбут да буоллахпына, миигин көрөр-истэр, оҕолуур киһиэхэ ыарахан буолара биллэр. Ол курдук, кэргэним кэлиэр диэри, улахаммын тахсан киирбэккэ эрэ сырыттым. Таҥара накааһа эбит. Ити кыһалҕа барыбытыгар да сытыытык турар быһыылааҕа: кыра наадабытыгар син бэйэ бэйэбитигэр көмөлөсүһэн сылдьабыт. Сорохтор бэйэлэрин бэйэлэрэ син хааччыналлар. Эбиитин туалеппыт уопсай буолан буоратта. Ол эбэтэр, ким урут киирбит: дьахтар киирдэҕинэ - дьахталлар, эр киһи киирдэҕинэ - эр дьон туалета буолар. Бу маннык көстүү, мин санаабар, Арассыыйа эбэ хотуҥҥа эрэ баар быһыылаах. Сороҕор, икки хайаҕастаах туалеппытыгар, бииригэр дьахтар, иккиһигэр эр киһи бэллэһэн олорор буолааччылар. Хайдах гыныаҥый, кэлэр кэлтин кэннэ. Туалеппытыгар кырата иккилии буолан сылдьабыт: биирбит аан таһыгар турар, киһи баар диэн сэрэтээччи. Аны туран табахсыттар… Туалет иһэ толору буолар. Атын омуктар син наадаларын кыбыстыбакка этэн-тыынан сылдьа сатыыллар, оттон биһи омук ол дьыалаҕа - мөлтөхпүт, өсөһө-тулуйа сатаан эрэй бөҕөтүн көрөөхтүүбүт. Аны биһигини оҕолооччулар тустарынан. Бу барахсаттар иһээччи аймахтарын, урууларын, кэргэннэрин, оҕолорун табыллыбатах дьылҕаларын үллэстээччилэр, кыҥкыйдарын тулуйааччылар, кыһалҕаларынан тыынааччылар буолаллар. Кинилэр дууһаларыгар биһигиннээҕэр улаханнык оҕустараллар да, тастарыгар таһаара сатаабаттар, кистии-саба тахсыбыт харахтарын уутун туора соттон кэбиһээхтииллэр. Көрө-оҕолуу сатыыр киһилэрин таһынан, палаата хас ыарыһаҕын кыҥкыйын барытын тулуйаллар: ким эрэ туалекка кыайан тиийбэппин диэн палата иһигэр табахтыа, ким эрэ стеклянкаҕа ииктээн баран раковинаҕа сүөкэттэриэ, ким эрэ түүн туран үс лиитэрэлээх стеклянкаҕа саахтаары (оннук бааҥка айаҕын билэр инигит, төһө киэҥин?) сыыһа түһэрэн, сыт-сымар бөҕөтүн таһаарыа, ким эрэ итиитэ бэрт диэн кус сыгынньах холоҥсо ыар сытынан күҥкүйүө, ким эрэ бэйэтин табыллыбатах олоҕор, киһини барытын үөҕэн ыһаарыа, ким эрэ арыгы ылларан, кистээн иһэн баран иирэн туруо. Онуоха эбии саҥа киирээччилэр арыгыларын, табахтарын, холоҥсолорун, хотуоларын сыта, үөхсэр, кырыыр-таныыр хаһыылара-ыһыылара... Ириҥэ, эмп, өр суумматах кирдэрин уонна уокка сиэммиттэр кэриэрбит сыттара - барыта мустан, инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ. Аны ыарыһахха эбии аһылык, эмп булуутун кыһалҕата. Бу барыта 1989 сыл, уларыта тутуу үгэнигэр, туох барыта дефицит, талон кэмигэр этэ. Палаталар ыарыһахтарынан толорулар. Оҕолооччуларга куойка эҥин көрүллүбэт. Онон ким хайдах табылларынан, уора-көстө хонон эрэй бөҕөтүн көрсөллөр. Онтон биһиги, бэйэмсэх муҥутаан, улахан аҕай үтүөнү оҥорбүт курдук, ынчык былаасылаах тиэрэ нараһан сытабыт… Бу айылаах «үтүөҕэ» тиэрдибит арыгы туһунан аҕыйах тыл. Биһиги бары да кэриэтэ арыгыттан сылтаан оһолго-дэҥҥэ түбэспит, умайбыт-үлүйбүт, кырбаммыт-эттэммит, охтубут-сууллубут дьоммут. Бу тухары – арыгы кыттыгаһа суох буолбат. Саҥа киһи киирдэҕин ахсын, аһыныах-харыһыйыах оннугар, мин эрэ буолбатах эбиппин диэн ханыы тардынар куһаҕан үгэспитинэн, испитигэр үөрэбит. Төһөнөн сололоох-чыыннаах киһи киирэр да, оччонон үөрүүбүт үрдүүр. Биир адвокат уол киирэн, тарбахтарын быстарбакка эрэ кыстарбытыгар биһиги: «Оннооҕор суут-сокуон дьоно итирэн үлүйэллэр эбит»,- диэн үөрсэбит, нууччалыы «нам простым смертным, сам бог велел» диэн, туох да буруйа суох курдук дьылҕабытыгар соҥнонон, үчүгэй баҕайытык таҥараҕа түһэрэн кэбиһэр буоллахпыт. Арыгы обургу киһини дуоһунаһынан, сааһынан, омугунан да араарбат буоллаҕа. Дьиҥэр, биһиги арыгынан сиэммит мэйиибитигэр онтон атын санаа киириэн да сатаммат буоллаҕа. Биһиги испитигэр, арыгыны испэт буолан баран, арыгыттан эмсэҕэлээччилэр эмиэ бааллара. Ол курдук биир Ньурбаттан төрүттээх кырдьаҕас, саҥа дьыллааҕы нуорматын ылан баран, маҕаһыынтан тахсан истэҕинэ, арыгытын былдьаары хатыйан охторбуттара улаханнык ыарыыланан суһал көмөнөн биһиэхэ киллэрбиттэрэ. Оҕонньору палаталар толору буоланнар, көрүдүөргэ сытыарбыттара. Бадаҕа, уоллаах кийиитэ быһыылаахтара, оҕолууллар этэ. Биһиги улууспут аҕа баһылыга кинилэр нэһилиэктэриттэн төрүттээх эбит, онон аймаҕырҕаһан, билсэн, хойуккааҥҥа диэри сэһэргэстибит. Сарсыныгар туран көөрпүт, дьоммут суохтар, оҕонньор куойката - кураанах. Ыйыталан билбиппит: кырдьаҕаспыт барахсан, түүн өбүгэлэригэр айаннаабыт. Хайдах? Өлөр быһыыта суох хаалбыта дии? Аата сүрүн! Өссө да олоруох кырдьаҕас, ити курдук арыгы сиэртибэтэ буолаахтаабыта. Дьэ кырыыстаах ас диэтэҕиҥ. Бу өлүү кэнниттэн аан бастаан миэхэ арыгылааһыҥҥа утарылаһар туох эрэ санаа кыыма охсуллан ааспыта. Тоҕо ким эрэ арыгылаан иһэ аһыйбытыгар, бу кырдьаҕас онто да суох кылгаабыт олоҕо толук буолуохтааҕый?! Биир пенсияҕа тахсан баран үлэлии сылдьар барахсан, оһоллонооччулар атын сиртэн сылдьар буоллахтарына, аадырыстарынан дьонноругар биллэрэр этэ. Кини биир татаар уолун дьонун ирдэһэн булбута. Дьоно уолларыттан аккаастаммыттара. Ол уол, «шабашниктар» биригээдэлэрэ хамнас ылан, ону «сууйа» сылдьан, харчыларыттан сылтаан иирсэн, ахсынньы ыйга кладовка иһигэр, соруйан хатаан кэбиспиттэриттэн, икки илиитэ уонна икки атаҕа суох хаалбыта. «Маннык киһини, биһиги кырдьаҕас дьон көрөр-истэр кыахпыт суох»,- диэбиттэр этэ дьоно. Итинниги үйэбэр истибэтэх киһи улаханнык соһуйан, уйулҕам хамсаабыта: «Арай дьонум миигин, эмиэ итинник диэтиннэр, хайдах киһи-хара буолабын? Ханна барабын? Кэргэним итинник быһаарыннаҕына хайыыр да кыах суох. Арай ийэм эмээхсин аккаастаммат ини куһаҕан уолуттан». Араас санаа ыар баттыгар сытан: «Татаар уола эрэйдээх ханна баран киһи буолаахтыыра буолла?»- диэн аһына санаабытым. Сорохтор санааларын түһэрбэттэр. Биир, нууччалыы эттэххэ «не столь отдаленнай» сирдэргэ сылдьыталаабыта сирэйигэр-хараҕар сурулла сылдьар киһини ахсынньы отут бииригэр киллэрбиттэрэ. Ол киһи, былырыын баччаҕа, эмиэ ахсынньы отут биирис күнүгэр киирэн атаҕын тарбахтарын сарбыйтаран тахсыбыт үһү. Быйыл ол эмиэ хатыламмыт. Аны охтор сирэ диэххэ дуу, эмиэ биир үһү. Көтөр фабрикатын диэки олорор, үлэлиир быһыылаах. Ол диэки, хайа эрэ күөлү туораан иһэн, биир сиргэ хаатыҥкаларын устан сыттанан баран утуйан хаалар үһү. Бу сырыыга атаҕын тиҥилэхтэрин эрэ хаалларбыттара. Киһибит ону: «Мас протез оҥотторуом уонна аныгыскы Саҥа дьылга хаатыҥкабын уһуллубат гына протезпар хам тоһоҕолоон кээһиэм»,- диэн күллэртиир. Сорохтор төттөрүтүн ытаан-соҥоон, суланан, санаалара түһэн киһи аатыттан ааһаллара. Кэргэним кэлээтин кытта, улахаммар тахсан киирэн, киһи тэҥэ суох буоллум. Киһи барахсаҥҥа ардыгар кыра да наада буолаахтаатаҕа. Ый анараа өттүгэр, ким эмит, улахаҥҥын тахсан киирдэххинэ үөрүөҥ диэбитэ буоллар, иирээкигэ холуом эбитэ буолуо. Куоракка баар аймахтар, уруулар кэлэ сылдьаннар сүргэм көтөҕүлүннэ. Хаһыат, сурунаал бөҕөтүн аҕаллылар. Кэргэним дойдубуттан таба быара, уулаах отон аҕалан сүрэхпин-быарбын сойуттум. Сотору Саҥа Дьыл, таптыыр бырааһынньыгым… Биһиги дойдуга ёлканы болбуктаттан таҥан оҥороллор. Билигин болбуктаны киллэртээн эрдэхтэрэ. Бөһүөлэктэрбит истэрэ болбукта сытынан туоллахтара. Мин манна сытаахтаатаҕым. Иннибэр туох күүтэрэ биллибэт. Кэлэр сылы илиилэрэ суох көрсөр буоллаҕым. Киһи барахсан төһө да улуутуйдар, бэйэтин сананнар, өлөр-өлүү иннигэр бары биир буолаахтаатахпыт. Букатын кэлбит диэн суох буоллаҕа. Биирдэ кэргэним дойдутуттан: «Оҕонньор ыытта»,- диэн биллэҕим уонна кэргэним аймаҕа киһи кэлэ сырыттылар. Кынным оҕонньор өлөр охтуутугар сытар үһү. Этэҥҥэ эбитэ буоллар, бэйэтэ киириэ эбитэ буолуо. Кэргэним, били мааҕы бэйэлээх оҕонньорун оҕолоору, ыалдьа сытар аҕатын киирэн көрсүбэккэ хаалаахтаабыта. Оҕонньор биһиги Муомаҕа тиийбиппит утаата быстыбыт этэ... Биллэҕим куттаммыт харахтара билигин да мин иннибэр тураллар. Мэктиэтигэр саҥатыттан маппыт этэ. Мин кинини хайдах эрэ, аны арыгыны испэт киһи буолла быһыылаах дии санаабытым да, да эрэ дииргэ тиийиллэр. (Киһи аймах атын киһи сыыһатыттан үөрэнэрэ диэн, тылга эрэ сылдьар быһыылаах), атын киһи кыһалҕатын өйдөөбөт киһи арыгыттан арахсара ыарахаттардаах. Иһээччи бэйэмсэҕэ бэрт буолан, атыттарга аҕалар куһаҕанын өйдөөбөт. «Мин иһэммин тугу гынным?»- диэн өрө хатылла түһэрин элбэхтэ истибит буолуохтааххыт. Итиннэ сытар иһээччи дьиҥ ис сирэйэ. Аһаабыт-сиэбит уолаттарым эмиэ кэлэн бардылар: биллэн турар, бииргэ аһаабыппыт-сиэбиппит диэн буолбатах, техникумтан көрсө диэн тиэмэҕэ. Биир бииргэ үөрэнэр кыыстарын илдьэ кээлтэр. Мин тута сэрэйдим, тоҕо кыыстаах кэлбиттэрин, нууччалыы эттэххэ, прикрытиелара эбит. Бастаан куттаммыт курдук гынан баран, кэлин, дьонум син-биир бэйэбин буруйдаатылар: «Собуоттанарыҥ бэрт эбит»,- диэн. «Чэ буоллун, мин да буруйдаах буолуум. Хата, бииргэ үөрэнэр кыыспар махтал: арыгылыы сылдьан үлүйбүт диэн кэлсимиэн сөп этэ. Ону хата уолаттарын кытта бииргэ кэлсэн уоскутар тыллары этэн бардаҕа». Биирдэ миигин үлүйбүттэр отделениеларын сэбиэдиссэйэ Николай Николаевич Божедонов кабинетыгар ыҥыран ылан оҕолорум, кэргэним, дьонум туһунан уонна ону-маны ыйыталаста. Онтон сыыйа омуктар оҥорор протезтарын туһунан кэпсээн барда. Бу олорон, илиилэрбиттэн матан эрэрим туһунан санаа кыымнара сыыйа төбөбөр охсуллан киирэн бардылар. Эмтээн-томтоон илиилэрдээх хаалыаҕым диэн, кыра да буоллар эрэллээҕим мэлийдэҕэ. Хараҕым уута ыгыллан тахсыбытын билбэккэ да хааллым. Көрүдүөргэ кэргэним уонна манна табаарыстаспыт уолум күүтэн олороллоро. Кабинеттан тахсыбыппар сирэйбиттэн-харахпыттан сэрэйдилэр быһыылаах, хараҕым уутун көрдөрүмээри дьалты баран олорбуппар табаарыһым батыһан кэлэн, аттыбар олорон уоскутан: «Мин мас ууһабын, илиини солбуйар тугу эмит оҥоруом…»,- эҥин дэтэлээтэ. Сарсын, хаҥас илиибин быһар буоллулар. Онтон дьэ хайдах буолабын? Арыгыны иһэн баран, үлүтэн илиитин быстарбыт киһийдэҕи дьонум-сэргэм хайдах ылынар? Оҕолорум барахсаттар төһө эрэ кыбыстыыга бараллар. Оҕолор бэйэлэрин истэригэр кырыктаах баҕайы буолааччылар. «Аҕаҕыт илиитэ суох»,- диэн үөҕэн, ыстырыыстаан сордууллара буолуо. Хайа, оттон тахсан киирэрбэр куруук киһи батыһыннарыылаах сылдьыах муҥум буоллаҕа. Олус эрэйи көрөөрү гыннахха, бу эрэйдээх-буруйдаах сир ийэ үрдүттэн эрдэ-сылла күрэнэр ордук буолсу дуу?…Арыгы обургу тэптэ да тэптэ! Ол иһин да, бу айылаах буолар быатыгар, кэлин олус кэбилэммитим. Хаһан баҕарар быраҕыам дии саныыр этим, ити бырааһынньык кэнниттэн, ол бырааһынньык кэнниттэн диэн буолара. Дьоммун-сэргэбин да, бэйэбин да таах мээнэ албынныы сатаабыппын. Манна мин биири бигэтик өйдөөбүтүм: кими баҕарар албынныахха сөп буоллаҕына, бэйэҕин бэйэҥ кыайан албыннаммат эбиккин диэни. Дьэ, дойдубун буллахпына, илиилэрэ суох диэн кэргэним быраҕан барбатаҕына, аны иһэн быстар үһүбүөн, аат аһын! Түүнүн ону-маны санаан утуйбатым даҕаны. Кэргэним аттыбар систээх икки олоппостон оҥостубут «оронугар» сытар. Эргичиҥниириттэн сылыктаатахха, эмиэ утуйбат быһыылаах. Сарсыардааҥы аһылыгы аһаппатылар. «Эппэрээссийэ кэнниттэн»,- диэн буолла. Бэйэм да улаханнык аһыах санаам кэлбэт, бу илиибин быстара бараары олорон. Операционнайга эмиэ студенка бөҕөтө. Дьэ, кыргыттарга баҕас табыллыбыт киһибин быһыылаах, саатар илиим быһылларыгар кытта кыргыттардаах буоллаҕым. Барахсаттар, ол да буоллар, көмөлөстөхтөрө дии: кыргыттар көрөн турдахтарына, хайдах мөлтөөн биэриэхпиний, тулуйарбар эрэ тиийэр буоллаҕым. Бастаан наркоз биэрээри гыммыттарын: «Ылбаппын. Маннык быһыҥ, тулуйуом»,- диэн айдааран турдум. Николай Николаевич барахсан сүүрэн кэллэ: «Сүрэҕэ үчүгэй эбит, миэстнэйдээн баран, бардын»,- диэтэ. Ол аата быһыллар илиибин эрэ утуталлар, бэйэбин буолбатах. Илиим тула укол бөҕөтүн туруордулар. Сотору соҕуһунан илиим дыҥ курдук буолан хаалла: иннэ төбөтүнэн астахтарына сөмүйэнэн анньар курдук буолла. Хайдах илиибин быһалларын, үөһээ лаампалардаах сиэркилэнэн көрө сыттым. Бу эрбиилэрэ эҥин боростуойун, эрбиилэрэ мэктиэтигэр дьэбиннээх курдук. Илиим эрэйдээҕи эрбээн баран тосту тутан ылан быраҕан кээстилэр. Ол быыһыгар, биирдэ ньиэрбэбин таарыйдылар быһыылаах, туймааран ыллым. «Тоҕо киһини уотунан оҕустараҕыт?- диэн дьээбэлэнэ сытабын.- Кытаатыҥ, түргэнник бүтүҥ, айыка!». Тиритэн уу-чоккурас буоллум. Утаттым аҕай. Тигэллэригэр ыарыыланным да, тулуйдум. Дьэ бүттүлэр. Анньыллар наһыылканан палатабар илтилэр. Аан таһыгар кэргэним, балыыһаҕа билсибит доҕотторум күүтэн тураллар. Мин харахпынан имнэнним - барыта үчүгэй диэн. Дьиҥэр, бу барыта, нууччалыы эттэххэ «бравада» буоллаҕа, туох үчүгэйэ кэлэн хааланыай. Түүнүгэр быһыллыбыт илиим тииһиктээн эмиэ утуйбатым. Уоскутар укол диэни көрдөһөн туруортарбытым көмөлөспөт. Хаһан да балыыһа диэни билбэтэх бэйэм дьэ, укуол, эмп арааһын биллим диэххэ сөп. Уоскутар эми иһэн утуйбута буоллум. Нөҥүө күнүгэр, тарбахтара лэппиллибит саастаах соҕус нуучча киһитэ кэлэн биһигиттэн уоскутар эми көрдөөбүтүн, туох да хос санаата суох биэрдибит. Онтубут наркоһуттан олох да тахсыбакка сылдьар эбит. Ол наркоһугар эбии, биһигиттэн ылбыт эмин иһэн, эбии иирэн, түүн туалет диэн дьахталлар палаталарыгар киирэн ииктээн, ханна түбэһиэх табахтаан, сарсыарда айдаан-араллаан бөҕөтө буолла. Биир сырыыга икки илиилэрин тарбахтарын сарбыйбыттарын да билбэккэ сылдьаахтыыр этэ. Иккис илиибин нэдиэлэ курдугунан диэн буолла. Төһө да түргэнник быһаарыллара ордук диэн күүппүт иннигэр, син-биир соһумар буолуох курдук. Илиилэрим быһылла иликтэринэ, син ону-маны кыбытан эҥин туттубута буоларым. Дьэ билигин, киһи көмөтө суох, олох да тугу да туттубат буолан хааллым. Иккиспин быстахтарына, олох да иэдэйии буолсу. Хайдах эрэ дойдуну буллахха, тугу эмит тобулаа инибин. Ама, бу орто дойдуга, баара суоҕа отучча эрэ сыл олороору кэлбитим буолуо дуо?! Аҕам-ийэм баччаҕа кэлэн илиилэрэ суох хааллын диэн төрөппүттэрэ-ииппиттэрэ буолуо дуо? Кыра эрдэхпинэ, аҕам мин кыра эмит ситиһиилэрбинэн олус диэн киэн туттара. Киһиэхэ барытыгар Сэргэй ону гынна, маны гынна диэн кэпсиирэ. Баара буоллар, төһө эрэ хомойоохтуур этэ. Аны бэйэм оҕолорум, кинилэр туох буруйдаахтарай, аҕалара иһэн-аһаан илиилэриттэн мэлийбитигэр. Кырдьыга, иһэ-аһыы сылдьан, ол эрэ туһунан сананыллыбат этэ. Наар бэйэм эрэ туһа диэн сылдьан-олорон кэлээхтээбиппин. Куруук мин эрэ атаҕастанан-баттанан, эрэйдэнэн-муҥнанан олоробун, мин буолбатах, онно атын ким эрэ буруйдаах буолан… Биһиги оҕо сааспыт алта уонус сылларга, арыгы арааһа сүүрүктүү кутуллар кэмигэр ааспыта. Ол гынан баран дьоммут арыгылыы олороллорун көрбөккө улааппыппыт. Ханна эрэ иһэн баран, кэлэн айдааралларын өйдүүбүн. Үлэлэригэр-хамнастарыгар да мэһэйдэппэттэр быһыылааҕа. Арыгыны туох эрэ куһаҕаннаах быһыылаах диэн дьаархана соҕус улааппыппыт гынан баран, оскуола үөһээ кылаастарыгар сырыттахпытына, арыгы испэт киһини туох эрэ итэҕэстээх курдук көрүллэрэ. Онон сорох-сорохтор айылҕаттан бэриллибит чэгиэн-чэбдик эттэрэ-хааннара ылыммакка, утарылаһан хотуолатарын үрдүнэн, хара күүстэринэн иһэн арыгыһыт буолаллара, күөгэйэр күннэригэр сылдьан, хотуоларыгар тумнастан, анараа дойдуга аттаналлара да баара. Нэдиэлэ курдугунан аны иккис илиим быһыллыбыта. Кыра оҕо курдук буола түстүм: киһитэ суох тугу да гыммаппын. Дьэ онно өйдөөтүм: таҥара илии диэн хайдахтаах наадалаах дьиктилээхэй бэлэҕи киһиэхэ оҥорбутун, киһи бэйэтэ таҥара биэрбит илиитин курдугу хаһан да оҥоруо суоҕун. Илиилээх буолаҥҥын тугу баҕарар оҥороҕун-тутаҕын, дьиктини, кэрэни айаҕын. Ол таҥара биэрбит дьикти кэрэ аптаах бэлэҕин харыстаабакка, аньыыны оҥорон, бодоҥ буолан, дьонтон итэҕэстийэн эрдэхпит. Ханна эрэ кыраныысса таһыгар оҥоһуу илиини оҥороллор диэн үһү-таамах кэпсээн баар да, айылҕа биэрбит илиитигэр ханан да тиийээхтээбэт буоллаҕа дии. Арай хачыстыбатынан эрэ, биһиги дьоммут оҥорбуттарынааҕар ордук ини. Бастаан илиитэ суох буоллаҕым утаата, кыһалҕаларым элбээбиттэрэ. Олох боростуойун да ылан көрүөххэ - тарбаныыны. Илиилээх киһи дэбигис өйдөөбөт кыһалҕата. Мин билигин, ынах барахсан ханна эрэ маска-окко аалына турарын көрдөхпүнэ, олус аһынабын. Тиийэн тарбаан биэриэх санаам кэлэр. Бу кыһыйбыт сиргин аалынаргар сөптөөх маһы-оту булунуоххун наада. Тахсан киирии эрэйдэрин туһунан: ыстааҥҥын хайдах эмэ түһэриннэххинэ, тардынаргар киһитэ суох сатаммаккын. Хайдах кэннигин соттор туһунан этэ да барыллыбат. Суунар-тараанар да эмиэ кыаллыбат, илийбит мыыланы кыайан туппат буоллаҕыҥ. Тимэхтээх таҥаһы эмиэ сатаан таҥныбаккын. Итии уулаах иһити туппаккын, төлө тутан аны ууга буһуоҥ турдаҕа. Маны таһынан, суруйаргар түһэн испэт паста, эрэй бөҕөнөн эрийэн атын сиргэ тиийэр төлөпүөн кыһыыта-абата, бу мин саҥа олоҕум кыһалҕаларын сорҕото эрэ. Маны барытын мин аһыннараары суруйбаппын. Маннык олоҕу арыгы көмөтүнэн бэйэм талан ыллаҕым. Арааска, олох барыта бырааһынньык курдук буолаары гыннаҕына, үөһээҥилэр сөбүлээбэттэр, киһи бу Орто дойдуга ананан кэлбит аналын толорботоҕуна, син-биир ирдииллэр быһыылаах. Кыһын устата, элбэх да сордоох илиититтэн-атаҕыттан матар эбит. Кинилэр киэҥ Саха сирин устун тарҕанан, сүтэн-оһон хааланнар, биллибэт эбит буоллахтара…Олортон үксүлэрэ, синэ биир диэн, арыгы дьэбэрэтигэр олох хаһан да күөрэйбэттии умсаллар. Ийэлээх-аҕалаах, халыҥ аймахтаах өттүлэрэ, ордук ыал кырата-атааҕа буоллаҕына, кинилэргэ кыҥкыйдаан, кини саҕа атаҕастаммыт суох аатыран, аһаан-сиэн, сордорун-сордоон, муҥнарын-муҥнаан сылдьыахтара. Бэрт аҕыйахтара эрэ, үөһээлэр ыыппыт үөрэхтэрин өйдөөн, сиргэ кэлбит аналларын толороллор быһыылаах. Ол курдук, бу күн сиригэр үктэнэн, дойдум, дьонум туһа диэн, күттүөннээҕи тугу да оҥорбокко, өйүм-санаам арыгы дьаарынан бүрүллэн, күөгэйэр күммэр сылдьан илиилэрбиттэн маппытым…
ЗОЖ 11 февраля 2019 Тоҕо илиилэрэ суох хааллым? Ким эрэ кыраабыт бэйэтэ буоллаҕа дуу? Оттон, тоҕо илиилэрим эрэ? Үгүс үлүйбүт илиититтэн, атаҕыттан тэҥҥэ матар ээ. Сорох олох даҕаны үргүлдьү анараа дойдуга аттанар. Эмиэ да, бу илиилэрбинэн кими да кырбаабыт-атаҕастаабыт, кимтэн да уорбут-талаабыт айыым-харам суохха дылы. Арай, бу илиилэр туспа аналлаах буоллунар? Бээ, бээ, аны кырдьык, мин үөһээттэн аналым бу илиилэрбинэн дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эрэ үтүөнү-кэрэни аҕалыахтаахпын, арыгылаан дьаабылана сылдьан толорботохпуттан буолаарай? Барыта арыгыттан. Аат аһын ким эрэ айда буолла? Ол эрэн, мин бэйэм олох буруйа суох буолуом дуо? Миигин ким да охторо сытыаран, арыгыны айахпар куппатаҕа. Эбэтэр, дьылҕа-хаан быһаарыытынан, бу киһи илиилэрин ылан өйдөнөрүгэр кыахта биэриэххэ диэн быһаарыллыбыта дуу? Үчүгэй да, куһаҕан да мээнэ буолбат быһыылаах, туох барыта үөһээттэн быалаах-туһахтаах, ыйыылаах-кэрдиилээх. Ахсааммыт күн-түүн эбиллэ турар. Саҥа киирээччилэр иккис-үһүс хонуктарыгар, урут киирбиттэри көрөн, дьэ төбөлөрүгэр оҕустаран, туохха-ханныкка түбэспиттэрин өйдөөн, саҥаларыттан матан, били, маҥнай киирэллэригэр киэптээбиттэрэ-киэбирбиттэрэ мэлийэн, ама, маннык бэйэлээх арыгылаан бу буолбут үһү дуо диэххэ айылаах дьүһүн уларыйаллар. Биллэриллибэтэх сэрии «сиэртибэлэрэ» күн-түүн киирэ тураллара. Хас кыһын аайы маннык хатылана турар үһү. Аны саас, сайын тимир көлө «сиэртибэлэрэ» элбииллэр. Ол гынан баран, манна да арыгы кыттыгаһа суох буолбат. Барытыгар баар! Бастаан утаа, алдьархайга түбэспитим кэбэҕэһэ бэрдиттэн: «Күлүгээттэргэ түбэһэн, кырбанан маннык буоллум (биллэн турар сөптөөх утарылаһыы кэнниттэн)»,- диэн «героическай» историяны толкуйдаабытым. Киһи кыбыстыах, кэлин онтубун бэйэм да итэҕэйиэх курдук буолан барбытым. Дойдубар кэлэн, бастаан утаа, арыгыттан туттуна сатаабытым да, өр тулуйбатаҕым. Истэхпинэ, итирдэхпинэ эрэ эрэй-муҥ барыта умнуллара. Ол гынан баран, бу эрэйдээх-буруйдаах орто дойдуга төннөрбөр, туох баар эрэйим, сорум-муҥум хас эмэ төгүл улаатара. Бэйэҥ бэйэҕиттэн ханна куотуоҥуй? Хаста-хаста бу дойдуттан күрэниэх, куотуох санаа киирбитин, айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн турдаҕа. Онтон эмиэ да оҕолорбун, кэргэммин, ийэбин, бииргэ төрөөбүттэрбин санаан уҕарыйарым. Төрөөбүт Төбүлэхпин көрөн баран эҥин диэн уоскутунарым. Сотору соҕус ким эрэ аһыммыта аатыран, ким көннөрү иһээри сылтаҕыран, бытыыкка кэһиилээх кэлээччилэр баар буолтара. Аҕыйах кэминэн, били, илии быһылларын саҕанааҕы сырдык санаалар умнуллубуттара, эмиэ урукку кэппэр түспүтүм. Итирдэхпинэ-кутурдахпына айдааным-куйдааным сүрдэммитэ. Наар, бу айылаах буолбуппар буруйдааҕы көрдүүр адьынаттаммытым. Сороҕор арыгыттан куотуммута аатыран, ийэм аахха баран олорорум. Хас эмэ хонук арыгылаабыт киһи, икки-үс хонукка тугу да аһаабакка гынан баран, дьэ испэр бөрө киирэрэ, хайа да бэйэлээх аска топпот буолан хааларым. Ханнык эрэ бириэмэҕэ дьон сирэйин таба көрбөт буолан, дьиэҕэ саһа сытарым. Аһыыр-иһэр дьон кэлэн ыйыттахтарына «суох» дэтэрим. Ол сытан олохпун ырыта саныыбын. Ханна эрэ өйүм түгэҕэр маннык олорорум сатаммат диэн өйдүүрүм да, тугу да гынарбын билбэт этим. Барыта да сатаммат курдуга. Илиитэ суох биир да үлэ табыллыбат эбит. Саатар, аҥаар илиим хаалта, ол оннугар атахтарым эбитэ буоллар… Муҥ саатар, аҥаар илиим ыйар тарбаҕын кытта тойон эрбэҕим баара буоллар... Ол быыһыгар, арыт атын дьон хараҕар көстүбэт кыракый ситиһиилэнэн дьоллонооччубун: үгүс эрэйинэн да буоллар, таҥаспын бэйэм кэтэн, уруучуканы илиим төрдүгэһигэр баайан баран сурунан, ойуулаан, тииспин бэйэм суунан эҥин. Биир тылынан эттэххэ, туттар-хаптар өттүнэн кыра оҕобор түспүтүм, барытын хаттаан саҕалыахха наада этэ. Ордук тахсан киирэрбэр эрэйдэммитим: аҥардас улахан наадаҥ кэнниттэн, «мин бүттүм» диэн киһи соторун күүтэ олорор, икки өттугэр, сотторооччуга да, сотооччуга да, өйгө-санааҕа, дууһаҕа охсуута сүрдээх этэ. Ити эрэй үксэ, ийэм эмээхсин үрдүнэн ааспыта. Онтон эмиэ барыта хатыланара. Арыгы айахпар түбэһиэ эрэ кэрэх, тугу барытын умнан, киһилии сирэйбин-харахпын сүтэрэн мээнэ барарым. Эмиэ түүлэ да, илэтэ да биллибэт күннэр суккуллаллара. Үгэс курдук, бэрт «кыратык тиийбэт» арыгыга харчы көрдөөһүнэ, дьону хайытааһын… Биирдэ, оннук аһарына сырыттахпына, билигин Покровскайга олорор, табаарыһым уол кэлэн көрсөн барта. Кинини, били охтор күммэр, көрсүбүт оҕо сааһым доҕоро Коля ыыппыт этэ: хайдаҕын, тугун билэн кэл диэн. Гошалыын бииргэ улааппыппыт, аармыйаттан сулууспалаан кэлэн, «дембелбитин» өр ахта-саныы сылдьар гына «сууйбуппут-соппуппут». Бииргэ төрөөбүттэрэ элбэх этилэр, олор улаата охсон, ким хаайыыга, кими эрэ өлөрбүттэр истэн уйулҕам хамсаабыта. Хайа ыккардыгар улаата охсон ол буолаахтаатахтарай?…Киһи олордоҕуна олорор диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Тугу дьарыктанарбын эҥин кыайан тобулбакка сылдьарым. Тугу да гыммат, туох да туһата суох диэн баар эбит - таҥара накааһа. «Үлэ диэн - дьол» диэннэрин дьэ өйдөөбүтүм. Өйдөөхпөр наар тугу эрэ булан ааҕабын. Ааҕар диэн эмиэ дьол эбит. Ааҕар буолуохпуттан ыла, кинигэ олоҕум арахсыспат аргыһа. Кинигэттэн төһөлөөх туһаны, үөрэҕи иҥэриммитим буолуой? Киһи ааҕан сиппэт буолуохтаах. Туругурдун кинигэ! Туругурдунар библиотекардар! Дьонум-сэргэм мин алдьархайбын олус чугастык ылыммыта. Ол курдук, ким туох кыалларынан көмөлөспүтэ. Ким үтүө тылынан-өһүнэн сүбэ-ама биэрэн, ким үбүнэн-харчынан… Үлэ булан биэртэрэ: имбэлииттэр обществоларын солбуйар бэрэссэдээтэлинэн. Ол общество лесопунк хонтуоратын биир хоһугар үлэлиирэ. Оччолорго лесопунк хонтуоратыгар үлэлиир Ю.Е. Гермогенованы, М.М. Ефимованы, Т.А. Сизыҕы кытта олус диэн тапсан үлэлээбиппит. Барахсаттар бу сүбэлэрэ-амалара, санаалара үчүгэйэ, сырдыга-ырааһа. Испэр хонтуорабын «үтүө санаа ордон хаалбыт арыыта» диэн ааттыыр этим. Бэрэссэдээтэлбит Макаров Г.Г барбыт-кэлбит, сытыы, ыгым соҕус киһи этэ. Бэркэ үлэлээн иһэн, сааһыары иһэн-аһаан, «кими эрэ абыраары» үлэбиттэн уурайбытым. Хантан эрэ аадырыс булан, Ленинград куоракка протез оҥорторо барар буоллум. Бу кэмҥэ, сиргэ мин курдук дьоло суох киһи суох диэн санана сылдьарым. Хата, урукку үлэлээбит тэрилтэм аэропорт үлэһиттэрэ, аймахтарым, доҕотторум харчы хомуйан абыраабыттара. Ленинградка, бу иннинэ, кэргэмминээн иккитэ сылдьыбытым. Россия куораттарыттан сөбүлээбит куоратым. Киэҥэ-куоҥа, ырааһа, хайа уонна хас муннуга барыта кэриэтэ история кэрэһитэ буоллаҕа. Аатырар «үрүҥ түүннэрэ» да, климата да Муомам киэнин курдук. Арай сиигэ эрэ бэрт эбитэ дуу? Бу сырыыга Ленинград куораттыын көрсүһүүм атын, курус соҕус буолла. Кэргэмминээн, илиилээх-атахтаах эрдэхпинэ, сылдьыбыт сирдэрбин көрө-көрө, икки хараҕым уута халыйан тахсыбытын, бэйэм да билбэккэ хаалабын. Кэргэним Фрунзенскай универмагы Французскай универмаг диэн ааттыыра, көннөрө сатаан баран сапсыйан кээспитим. «Россия» гостиницаҕа миэстэ костүбүтүгэр олус да үөрбүппүт. Дьоллоох да кэмнэр эбиттэр. Ол бэйэм, икки илиитэ суох, киһиэхэ арыаллатан кэлэн турабын, арай протезтанан киһи-хара буолаа инибин. Икки атахтаах, бу таҥара биэрбит илиитин курдугу хаһан да оҥоруо суоҕун хантан билиэмий? Арыаллаан илдьибит бырааппын үүйэ-хаайа тутан, арыгы ылларан, түспүт ыалбар тиийэн, тыыммын таһаарынабын. Түспүт эмээхсиммит соҕотох буолуохтаах этэ да, биһиги тиийэрбитигэр оҕонньордоммут этэ. Буолаары буолан, сэрии кыттыылааҕа. Саатар, манна табылынным ини, сэрииһит аттыгар да туран көрбүт суох. «Ленинград сиригэр сахалары уохтаах нуучча буоккатынан айах тутан көрсүһүү» бастакы түһүмэҕэ саҕаланнаҕа ити. Эмиэ куһаҕан түүл курдук күннэр буолуталаатытар. Саатахха, өрөбүллэр түбэһэннэр НЧИ-пар нэдиэлэ бастакы күнүгэр киирэр буолтум. Онон арыгылыырга бириэмэ баар буолла. Сэрииһит оҕонньорбут да хаалсыбат. Мин сэрииһиттэри сибэтиэй кэриэтэ саныыр буоларым, онтум атын буолан таҕыста. Били, киинэҕэ көрө, кинигэҕэ ааҕа үөрэммит дьоммут буолбатах эбит. Кырдьа-кырдьа дьахтарымсаҕа, арыгыһыта, быдьара хайдах эрэ Аҕа дойду сэриитин уордьанын (хаһыс истиэпэнэ эбитэ буолла?) кавалерыгар олох да маарыннаабат. Биһиги, онно холоотоххо, быдан ыраас, айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Арай арыгылыыр куһаҕан кэмэдьибит, ону туора сотон таһааран эрдэҕэ. Аны туран, истэхпитинэ ньоҕойбут оҕото сыттаҕа, хаһан да «түксү, сөп буолуо» диэн суох, куруук тиийбэт муҥа. Дьэ быраатым ньиэрбэтигэр оонньоон ахан биэрдим быһыылаах. Кэлин санаатахпына, дьэ убай да бөҕөтөбүн дии, кэннибин сотторо сылдьан, сүгүн да сылдьыах баар этэ. Түүннэри-күннэри наар харчы көрдөөн сулуйабын, өссө эбиитин ол быыһыгар: «Миэхэ хомуйбут харчылара, эйиэхэ буолбатах»,- диэннээхпин. Дьэ, сааппат сирэй диэбэккин дуо? Кыһыылаах да буоллаҕа буолуо, тустаахха. Санаата кытаанах эрэ буолан тулуйаахтаатаҕа. Эппит кэмнэригэр, илии оҥотторор сирбэр киирдим. Манна кэлэрбэр, миигиттэн ордук муҥнаах-сордоох, дьоло суох олохтоох бу Орто дойдуга суоҕун курдук сананан кэлбит киһи, бу дойду илиитэ-атаҕа суохтарын көрөн, мах бэрдэрбитим. Манна бааллара: санныларыттан ыла илиитэ суох төрөөбүттэр, төрдүттэн ыла илии-атах суох дүлүҥ курдук, эбэтэр биирдии эрэ лабаалара ордубут дьон. Ким бу дьону көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн, сууйан-тараан олороро буолла, сэрэйдэххэ, чугас дьоно барахсаттар буолуо. Миигин тоҥолохторуҥ бааллар, санааҕын түһэримэ дэһэллэр. Ол аата, тоҥолохтоох киһиэхэ протез олордор судургу буолар үһү. Кинилэри көрөн баран, бэйэм да хайдах эрэ, илиибэр мас киирбитин ыллара кэлбит курдук сананарым элбээн киирэн барда. Кэлиэкэ да, буода да, элбиир буолар эбит. Илиилэр, атахтар, оҕолор диэн этээстэринэн арахсабыт. Этээстэрбит көрүдүөрдэрэ аҥаар уһугуттан нөҥүө уһукка турар киһи бып-быыкаайык буолан көстөр уһуннар. Үгүспүт «афганецтар» быһыылаах. Оо, мин кэлиэкэ буолбут төрүөтүм, киһи кыбыстыах, сүрэ да бэрт, арыгылаан буола-буола, балар курдук сэриигэ да буолбатах буоллаҕым. Мин быраастарбын кытта билсэн баран, маҥнайгы кыһалҕабын быһаардым: улаханы сылдьан баран, хайдах соттор туһунан. Онтум туалет аайы баар эбит, улахан уустуга суох, хайдах маннык өйбөр киирбэтэҕэй диэххэ айылаах. Хата, наар алдьанан баран турар буолааччы. Саҥардан биэрэллэр да, аҕыйах хонугунан эмиэ алдьанар. Мин бэккиһиир этим. Онтон кэлин өйбөр киирбитэ, кыайан туттубакка кыйаханан алдьаталларын. Билигин оннук оҥоһугу, илдьэ сылдьар гына, маһынан оҥотторбутум. Онтубун ыйыырга, туалекка тоһоҕо саайыллыахтаах, ол куорат таас дьиэлэригэр ыарахаттардаах. Бу арыйыы, бэйэбин киһи курдук сананарбар сүҥкэн суолталаммыта. Салгыы, биир кыһалҕалаахтарбын кытта билсэн киирэн бардым. Онно биир дьикти түгэн арыллыбыта. Дьонум улахан аҥаара, бэйэм курдук, арыгы сиэртибэлэрэ этилэр. «Афганец» диэн ахсааннааҕа. Бу аата тугуй? Норуоту утары ким эрэ соруйан тэрийбит сэриитэ быһыылаах. Бачча элбэх сиэртибэ сэриигэ эрэ буолуон сөп. Маны таһынан, төһөбүт таҥаралаабытын туох да билбэт. Ону ким да аахпат, ааҕар да буоллахтарына чып кистэлэҥҥэ туталлар. Буолумуна, судаарыстыба төлө тарпыт «кистэлэҥ сэриитин» сиэртибэлэрэ буоллахпыт. Биһиэхэ ким да наадыйбат буоллаҕа. Арыгы харчыта дойду экономикатын тутан турар диэн буолар да, оттон омук сиригэр оннук буолбатах быһыылаах дии? Оччотугар ким эрэ маннык санааны соҥнуур буолан тахсарыгар тиийэр. Манна мин билбитим олоххо тардыһыы диэни, хайдахтаах курдук күүстээх санаалаах дьон баарын. Кинилэр холобурдара, тутатына да буолбатар, миэхэ сирдиир сулус буолбуттара.
ЗОЖ 11 февраля 2019 Күн аайы туохха эрэ үөрэнэбин. Холобур, испиискэ хаатын тобуктарынан кыбытан туран илии төрдүгэстэринэн уматары, наскыны тиис көмөтүнэн кэтэри уонна да атыны. Икки илиитэ суох киһи тобуктарын, тиистэрин улаханнык туһанар буолар эбит. Сороҕор атахтаргын илии оҥостоҕун. Биир төрүөҕүттэн санныларыттан ыла илиилэрэ суох кыыс баар. Ол уопсай остолобуойга аһаабат этэ. Биирдэ саахыматтыы олорорун көрбүтүм, кууркатын санныгар иилэ быраҕыммытын көрөн илиилэрдээх дии санаабытым. Көрбүтүм: атаҕынан оонньуу олороро. -Хас сыл нааданый, атаҕынан маннык тутта үөрэнэргэ?- диэн ыйыттаҕым дии. Онуоха кыыһым: -Мин төрүөхпүттэн илиилэрим суохтар, онон илиилээх диэн тугун билбэппин. Оттон эһиги, бэҕэһээҥҥэ диэри илиилээх сылдьыбыт дьон, мин курдук кыайан үөрэниэххит суоҕа,- диэбитэ. Гуманитарнай предметтэргэ учуутал буоларбар сүбэлээбитэ. Бэйэтэ история учуутала. Үчүгэйкээн баҕайытык, барыта уурбут-туппут курдук оҥостунар, киэргэнэр эбит этэ. Ол гынан баран, бу кыыс-дьахтар, улаханын тахсан киирэн баран, хайдах соттунара буолуой? Арыаллыыр киһитэ суоҕа. Атаҕынан буолуо дуо? Өйбөр оҥорон көрө сатаабытым да, киирбэтэҕэ. Ыйытыахха сүрэ бэрт… Сотору илиилэнэбин диэн дьэ күүт-күүт. Бастаан утаа көрөн-истэн иһэннэр, быраастарбыт уостан хааллылар. Онтубут бэрик эрэйэллэр эбит. Кавказ диэки конфликтар саҕаланан эрэр кэмнэрэ этэ. Ол обургулар бэриги биэрэ үөрүйэх буоллахтара: кырата сакалааттаах хоруопканы биэриэхтээх эбиккин, оччоҕо дьыалаҥ сыҕарыйар эбит. Сынньалаҥҥа куоракка дьонноох дьону куоракка баралларын көҥүллүүллэр. Мин тахсан, эмиэ куораты кэрийэн, киэһэтин «тапталлаах» арыгыбын иһэн тыыммын таһааран кэлэбин. Биирдэ таҥара дьиэтигэр киирэ сырыттыбыт. Мин суох илиилэрим сиэхтэрин сиэппэр укта сылдьабын. Биир киһи утары хааман кэлэн: «Илиилэргин хостоо, сатаммат»,- диэтэ. Лэппиллибит илиилэрбин көрдөрбүппэр, тоҕо сиэппэр уктубуппун өйдөөтө, салгыы тугу да саҥарбакка бара турда. Онно туран: «Таҥара баар буоллаҕына, тоҕо миигин накаастаабыта буолуой?»- диэн санаан ыллым… Дворцовай болуоссакка миитин буола турарыгар түбэһэн сырыттыбыт. Онно сылдьан иһиттэхпитинэ, Ленинград куораты Санк-Петербург диэн уларытар туһунан айдаараллар эбит. Мин дьиҥэр историческай аат төннөрүн утарбаппын, онон Санк-Петербург туһугар икки куолаһы биэрэн баран салгыы бара турдубут. Дьиэбитигэр кэлэн ол туһунан кэпсээбиппитигэр, дьоммут хайдах эрэ сөбүлээбэтэх курдук саҥардылар. Ол бэйэтэ сөп эбит: хас революция, репрессия долгуйууларын барытын билбэхтээбит аҕай дьон буоллахтара. Быраатым үөрэҕэр барара бу кэлбитэ да, мин протезтарбын оҥоруохтааҕар буолуох, мээрэйгэ да ыҥыра иликтэрэ. Бэрикпин да биэрэ иликпин. Сараһыны хайдах биэрэн эрэллэрэ буолла? Онон салгыы соҕотоҕун хаалар буоллум. Бастакы группалаах инбэлиит арыаллыыр киһитэ суох сылдьыа суохтааҕын туһунан билбэт буоллахпыт дии. Быраатым бартын кэннэ кинини суохтаатым. Кэлэр сынньалаҥҥа таҕыстахпына, дьиэҕэ хаайтарар буоллаҕым дии. Кэпсэтии быһыытынан, туттар харчыбын, оҕолорго ылбыт кэһиилэрбин кытта эмээхсиннээххэ хаалларыахтаах. Субуотаҕа тахсан, дьиэбэр «улуу күүлэйи» тэрийдим. Сэрииһит оҕонньор сотору-сотору аттыбытынааҕы арыгы маҕаһыыныгар содьороҥнуур (аҥар атаҕын бэрбээкэйинэн протезтаах). Киэһэнэн хас эмит этээс үрдүкү кыбартыыраҕа баар буолан хааллым. Бастаан мин күндүлээбит быһыылаахпын. Устунан, алларааҥы дьонум, олорор эмээхсиним аах киллэрбэккэлэр үөһээ көстөҕүм дии. Билигин санаатахха, харчыбын ылан хаалбыттар, арыгыһыт-кэлиэкэ ирдэһэн кыайан ылбатын биллэхтэрэ. Дьэ сүрдээх да дьон баар буолар эбиттэр. Бэйэм да баарбын, манна төрөөбүт дойдум буолбатах ээ, сэрэнэ-туттуна соҕус сылдьыахха баар этэ да, арыгы обургу айахха киирдэҕинэ туох барыта умнуллар буоллаҕа. Түүнү быһа арыгылаан баран, дьиэлээх киһи кэргэнигэр дуу, иккис дьиэтигэр дуу баран хаалла. Мин утуйуом диэммин хаалааччы буоллум. Түүн тура сылдьыбытым, аан таһыттан хатыылаах этэ. Дьэ бу дойдуҕа түөрт хоммоппун дуо?! Ас диэн биир хатан хаалбыт килиэп хоруоската баарын хачыгыраппытым ыраатта. Ууну кыраантан иһэбин. Испэр, быраастарым төһө эрэ үөхсэн эрэллэр диэн сэрэйэбин. Кэтэ сылдьар таҥаспын мыылата, бороһуога суох, атахпынан сууммута буоллум. Онтон атахпынан үктээн таҥаспын ыктым. Ол кэнниттэн онно-манна быраҕаттаан хатара уурдум. Бырааппын санаан ытамньыйан ыллым. Баарыгар кирдээх таҥаспын киниэхэ хаалларан, ырааһы таҥнан барар этим. Аны билигин билбэт сирбэр, атын омуктар ортолоругар, икки илиитэ, биир кэппиэйкэтэ, үрдүбэр кырыыһата суох туран хааллым. Эмиэ тапталлаах арыгым көмөтүнэн. Хаһан эрэ өйдөнүөм эбитэ буолла? Мантан хайдах эрэ мүччү туттаран, тыыннаах ордон дойдуга тиийдэххэ, кырыыстаах аат аһыттан дьэ арахсыам этэ.
ЗОЖ 11 февраля 2019 Куһаҕан да үчүгэйдээх. Миигин, өссө сүтүөн иннинэ, дьиэтигэр ыыта охсуохха диэтилэр быһыылаах, туох да бэригэ-таймата суох, түргэн үлүгэрдик мээрэйбин уста охсон, сотору соҕуһунан протезтарым бэлэм буоллулар. Ону-маны туттарбар сөптөөхтөр диэммин, туттуллар протез диэннэригэр араас насаакка бөҕөтүн ыллым. Били, сүтэ сылдьыам иннинэ, институкка ниэмэс протез оҥорооччулара кэлиэхтээх этилэрэ. Олорго анаан көрдөрүүгэ, ону-маны тутта сатыыр дьону бэлэмнии сылдьыбыттара, мин ол аҕыйах «дьоллоох» ортотугар баарым. Ниэмэстэр мин сүтэ сырыттахпына кэлэн барбыттар. Биир-икки киһини талан бэйэлэрин протезтарын олордубуттар. Кыһыйбытым иһин хайыамый, арыгылааһыны ордорбут киһи, баҕар, германскай протезтаныам хааллаҕа. Аны барарым саҕана, илдьэр киһим суох буолан турда. Ол да буоллар, порка киллэрэн, медпуҥҥа туттардылар. Мин туох эрэ тойон курдук айаннаатым: медпууҥҥа аһатан-сиэтэн, туалеттатан баран, самолекка кэтэҕинэн киллэрэн олордон кэбистилэр. Аара түспүт портарбар массыынанан көрсөн эмиэ оннук гыналлар. Бииргэ көтүһэн иһээччилэрим, кэнникинэн дьиибэргээн: «Туох киһигиний?»- диэн аттыбар олорор киһинэн ыйыттардылар. Онуоха төһө кыалларынан, «разведчик» баҕайы дьүһүммүн туттан: «Государственная тайна»,-диэччи буоллум. Аһыырбар сэрэнэн аһыыбын: улахаммын тахсан киириэх санаам кэллэҕинэ иэдээн дии, хайдах соттуомуй? Дьиэбэр тиийдэхпинэ аһыыр инибин. Дьонум кэпсэтэннэр куоракка биир дойдулааҕым уол дьиэтигэр түстүм. Ол дьонум хаһыа да буолан киирэн көрүстүлэр. Салгыы биир дойдулаахтары кытта «атыыр» көрсүһүү саҕаланна. Ол курдук, дойдулуур самолетум көтөр күнүгэр диэри, өйө-төйө суох арыгылаатыбыт. Хантан эрэ гитара булан, струналара быһыта барыар диэри оонньоотубут. Мин да хаалсыа суох эбиппин да, илиилэрим суох буоланнар, харса суох музыкант дьүһүммүн туттан, дөрүн-дөрүн, ити сыыһа аккорд эҥин диэн тыл кыбытааһынынан муҥурданным. Ырыаһыппыт диэн үлүгэр. Хата, аэропортка хайдах киирээхтээбиппит буолла? Муомабар, син илиилэммит курдук сананан, протеһым көмөтүнэн ону-маны дьарыгырыам диэн санаалаах эргилинним. Аны протезтарым туһунан. Аҥаар илиилээх, эбэтэр аҕыйах тарбахтаах дьон протез кэтэ сатаабаттарын болҕойон көөртүм. Кэлин өйдөөтөххө, ол манныктан эбит: икки да тарбах хаалбыт буоллаҕына, олорунан туттарыҥ протеһынан туттаргынааҕар быдан ордук, куһаҕан да буоллар, эн эрэ эккэр-хааҥҥар анаммыт төрүт-хаан бэйэҥ төрдүгэһиҥ буоллаҕа. Аны көрүҥэ да сыттаҕа дии, оҥоһуу аата оҥоһуу, оннооҕор ыттар атыҥырыыллар. Сорох ардыгар хайдах эрэ туттабын быһыылаах, кимиэхэ да кыһаммат ыттар сиэри хаайаллар. Протез оҥоһуллар матырыйаала быласымаас икки, эрэһиинэ икки буолан, итиигэ оргуйан тахсан, тымныыга тымныыны тардан эрэйдиир аҕай. Урут булка, балыкка сылдьар буоллахпына, билигин түһээн эрэ сылдьыахпын сөп. Ордук муус аннынан балыктыырбын суохтуубун. Манна таҕатан аҕыннахха, үлүйэр сылым күһүнүгэр, таайым бултуур үүтээнигэр, хоно-өрүү сытан муус аннынан балыктаабытым. Таайым икки уолун кытта баара. Ким элбэҕи хаптарар диэн куоталаһабыт. Мин наар хотторон истим. Дьонум кыра-улахан диэн аахсыбаттар, түбэспити барытын хаптараллар, тоҕо диэтэххэ, төбө ахсаанынан куоталаһаллар. Арай, эмискэ ойбонум иһэ хараҥара түстэ, өйдөөн көрбүтүм, үөһээнэн улахаан балык ааһан эрэр эбит, мин буоллаҕына, күөгүбүн аллараанан тэлимнэтэ сытабын. Бастаан, улахан быйыт ааста быһыылаах дии санаатым. Күөгүбүн сыыйа үөһэ өрө таһааран тэлимнэтэн истэхпинэ, балыгым айаҕын аппытынан бу баар буола түстэ. Мэктиэтигэр тыынарым тохтуурга дылы гынна. «Кытаат, хап гын! Баар! Баар! Хаптардым. Аны ойбоммор баппакка куоттарарым буолуо?»- дии саны-саныы балыкпын таһаардым. Көрбүтүм: улахан да улахан дьарҕаа эбит. Балыкпын төбөтүттэн батары харбаан ылан өрө уунан дьоммор көрдөрдүм. Бырааттарым сүүрэн кэлэн, улаханын көрөн сөҕөн бардылар. Мин: «Балыктаан бүттүм, кыайдым»,- диэн кыһыттым. Сотору халлаан хараҥаран, мин эбии тугу да хаптарбакка, бүтэн үүтээммитигэр таҕыстыбыт. Муома Эбэҕэ балыктаабытым тухары, итинник улахан дьарҕааны туттаран көрө илигим, дьон да хаптарбытын көрбөтөҕүм. Ол мин тиһэх балыктааһыным этэ. Эбэм түүйбүтэ эбитэ дуу, маанылаабыта эбитэ дуу, билбэтим. Түһээн куруук илиилээх, эбэтэр сорох тарбахтарым баар курдук буолан, үөрэн аххан уһуктабын…Муҥ саатар, биир илиим «кокуоска» биэрэр үс тарбаҕын элээмэлэрэ ордубуттара буоллар ньии… Аны туттар протезпар кэтэрдиллэр, араас түгэннэргэ туттуллар насадкаларбынан туһана сатаатым. Бастаан, тимир ылтаһынтан ону-маны быһан көрдүм: бастыҥа, илин кэбиһэр эҥин. Син сатаныа эбит да, таҥарбар син-биир киһи көмөтө суох сатаммаппын. Онон дьону көрдөһөр диэн эмиэ биир кыһалҕа үөскээтэ: тугу эмит сиэппиттэн хостоо, тимэхтээн кулу, саҕабын көннөр, баттахпын мыылалаа, атах таҥаһын кэтэрбэр көмөлөс эҥин диэҥҥэ. Ол аайы сорох кыыһыран иҥиэттэ түһэр, сорох, аһары бүөбэйдиир. Соторутааҥҥа диэри илиилээх сылдьыбыт киһи манныгы көрдөһөрө сүрдээх ыарахаттардаах эбит. Биирдэ уруһуйдуурга холоннум. Эмиэ табыллыа эбит да, ойууну атыылаан харчы оҥостор буоллахха, биирдии хартыынаны хастыыта эмит хос-хос ойуулуохха наада. Ол миэхэ кыаллыбат эбит. Биир хартыынаны иккистээн ойуулуурбар олох табыллыбат. Аны ойуулуу сылдьар хартыынабын бүтэрбэккэ, уһатан-кэҥэтэн кэбистэхпинэ, онон хаалар, кэлин төннөн ситэрэр диэн мэлигир киһитэ буоллум. Уруһуйдаан бүттэхпит ол. Мантым быыһыгар, киһи көмөтүнэн сөбүлүүр идэбинэн дьарыктанабын: кыралаан радиоэлектроннай аппаратураны чөлүгэр түһэрэбин. Дьэ бу сылдьан, арыгыбын син биир иһэбин. Истэрбин эрэ, өйбүн сүтэриэхпэр дылы дьаабыланабын. Биирдэ, эмиэ уһун синньиҕэс арыгылааһын кэнниттэн, ийэм аахха атаахтаан тараҥныы сытан, Г.Ф.Углов диэн киһи кинигэтин булан аахтым. Арыгылааһын туһунан эбит. Бастаан: «Дьэ эрэ, ол арыгы буортутун туһунан туох саҥаны буллугут?»- диэн сэтэрии-сэтэрии, үрдүнэн-аннынан көрөн иһэн, устунан таттаран, биир тыынынан аахтым. Ол кэмҥэ, өссө да маннык кинигэ баара буоллар ааҕыа эбиппин, ол курдук интэриэһинэйдик суруллубут. Ол да буоллар, бу дьикти киһи кинигэлэрин булан ааҕар туһунан, арыгы дьаатыгар сиэммит мэйиибэр киирбэтэҕэ. Ол эрээри, кинигэ миигин улахан толкуйга түһэрбитэ. Мин аан бастаан, арыгы аҕалар алдьархайын туһунан бэйэм бэйэбин кытта атын өйдөөх-санаалаах олорон ырыппытым: «Эн, арыгы, абааһы аһа, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, убай Сиэнньэттэн саҕалаан, төһөлөөх өлүүнү-сүтүүнү аҕаллыҥ? Төһө киһи олоҕун алдьаттыҥ? Хас ыалга «ыаллаан» аастыҥ? Аны да маҥалайыҥ туолар санаата суох дии. Миигин эмиэ ылаары гынан баран, кыайбатыҥ дуу, кэлин хаһаанныҥ дуу? Оо, убайым Сиэнньэ барахсан, баара эрэ сүүрбэччэ саастааххар, армияттан саҥа кэлэн, таптыыр кыыскын кытта холбоһоору сылдьан, арыгыттан суорума суолламмытыҥ кыһыыта-абата миэхэ билигин да ааспат. Эн сиэниҥ, мин кыыһым биирдэ: «Аҕаа, эн убайыҥ баара эбитэ буоллар, олоҕуҥ, баҕар, атыннык салаллыа этэ»,- диэн соһутан турардаах. Эн иннигэр да, кэннигэр да арыгыттан төһө киһи суорума суолламмыта буолуой? Ол да буоллар арыгылааһын тохтуохтааҕар, сытыырхайар, эдэримсийэр. Бу олорон, Углов кинигэтин ким миэхэ «анньан» биэртин таайа сатыыбын. Арааска, кийиитим Полина барахсантан тахсыбыт быһыылааҕа. Урут, ити кинигэни ийэм аахха көрбөт этим. Кинигэ аата «В плену иллюзии» диэн быһыылааҕа. Онно арыгыны эмтээһиҥҥэ Шичко ньыматын туһунан сиһилии суруллубут этэ. Онтон ыла, бу ньыманы туһаммыт киһи диэн санаа миэхэ бигэтик олохсуйбута. Арыгыга ылларар, арыгыттан арахсардааҕар чэпчэки. Өссө ыарахан, бэйэни арыгыһыппын диэн билинэр. Оттон бэйэҕин арыгыһытынан билиниэҥ иннинэ эмтэнэр туһата суох. Онон мин арыгылыырым тута тохтооботоҕо, бэйэбин арыгыһытынан билиммэт этим. Мин санаабар, миигин иһээччилэр эрэ өйдүүр курдуктар этэ. Үрүүмкэбин тутан туран иһэрдэллэрэ, дэлби аһыналлара. Арыгы дуу, харчы дуу көрдөтө, киһиргэтэ-киһиргэтэ миигин ыыталлара. Дьон аһынан тугу эмэ дук гыннахтарына, сүрдээх «курутуой» курдук сананан аҕай кэлэрим. Төлөһөр саҕана, били, миигин өйөөбүт, аһыммыт, киһиргэппит, арбаабыт, төһө эмэ «һуу-татай, дьэ биһиги аҕай буоллахпыт, эн төлөһүмээр даҕаны» дэстэллэр бииргэ аһаспыт «доҕотторум» бары сүтэн хаалаллара. Кинилэргэ босхо арыгы эрэ наада. Имбэлиитим биэнсийэтин сыыһа барыта иэспэр барара, кыра эмэ ордубутун эмиэ арыгыга ыытарым. Оҕо-уруу, дьиэ-уот туһунан туох да өйдөбүл суох дьоно буоллахпыт. Иэспин төлүүрүм саҕана: «Акаарыны миигин туһаналлар»,- диэн кинилэргэ абатыйдарбын да, арыгыны көрдөхпүнэ, ол барыта тута умнуллара, эмиэ «өйдүүр-аһынар доҕотторуҥ» диэки сүөдэҥниигин. Айан төлөбүрэ арыыйда эрдэҕинэ, дьонум сайын аайы дойдуларыгар баран сынньанан (миигиттэн эмиэ) кэлэллэрэ. Бардахтарын утаата, кыра харчы хаалларбыттарынан арыгылыырым. Үс-түөрт хонук оннук арыгынан эрэ аһыы сылдьан баран, арыгыга, санааҕа-онооҕо баттатан, аччыктаан дьиэбэр кэлэн иччитэх хостору кэрийэн ытыы сылдьар киһини, ийэм эмээхсин кими эрэ ыытан, дьиэтигэр ыллаттарара. Онно тиийэн суунан-тараанан, аһаан-сиэн син киһилии кэппэр киирэрим. Ол гынан баран, иһэ сылдьан ханна-ханна сылдьыбыппын, тугу гыммыппын өйдөөбөт буоламмын, кыбыстан, саатан ханна да быкпаппын. Онно эбии иэһим-күүһүм сыттаҕа дии. Төлөпүөҥҥэ суох дэттэрэрим. Быһата «өлбүт үөҥҥэ» кубулуйарым. Дьонум кэлиэхтэригэр оннук хаста эмэ хатыланара. Биирдэ оннук иһэ сырыттахпына, өлөөхтөөбүттэрэ хас эмэ сыл буолбут эдьиийдэрим саҥалара миигин батыһа сылдьар буолан хаалта. «Итиннэ кэл, манна бар»,- диэтэхтэрин аайы сүүрэн иһэбин. Ол саҕана, өбүгэлэрбэр бара сыстым быһыылааҕа. Ылбыт иэстэрбин бастаан, харчыланным эрэ төлүү сатыыр этим. Кэлин, «Ыттан тириитин сүлэн ылыахтара дуо?»- диэн санаа баһыйан, төлөөбөт да буолтум. Өлөттөрө сытан, барыттан-бары сылайан, баттатан, арыт, барытын биирдэ быһан кэбиһиэх санаа кииртэлиир буолбута. Ол быыһыгар, төһөтүн да иһин аҕа дуома буоллаҕым, оҕолорбун өйдүү түһэн, эмиэ онуоха-маныаха диэри уоскуйарым.
Сороҕор, аҕам барахсан бэйэтигэр тиийинэн, сиэннэрин, олох сайдыытын көрөр дьолтон маппытын санаан, уйадыйан ытыырым.. Аҕам өлүүтэ биһиги уйулҕабытын улаханнык алдьаппыта. Итинник быһаарыныыны ылынарыгар туох быа-туһах буолбута биллибэт. Дьиэтигэр-уотугар, үлэтигэр-хамнаһыгар да, туох да баара биллибэт этэ. Биһиэхэ сыһыана кытаанах соҕус гынан баран (буруйданнахпытына), таптыыра-кыһанара баһыйара. Ханна эрэ баран өр буоллахпытына ахтыбыт аҕай буолааччы. Көрдөөх-нардаах буолан уонна киһи да быһыытынан кинини дьон-сэргэ сөбүлүүрэ. Арай, кэлин, арыгыга күтүрүүрүм күүһүрэн иһэр. Өлөрүгэр испэтэх этэ дииллэр да, «өлөттөрө» сылдьан дьаһаммыт быһыылаах этэ. Бэйэбинэн оҕустахха, улаханнык санааҕа-онооҕо ыллараахтаабыт быһыылаах (билиҥҥинэн депрессия дэнэр). Дьон аҕам туһунан биир бэрт дьиктини кэпсиирин истибитим. Аҕам өлүөн иннинээҕи сайын, Абыйга, Муоматтан хаһыа да буолан, Абый улуу кырдьаҕаһыгар, Көстөкүүн оҕонньорго көрдөрө (туга ыалдьарын кыбыстыам иһин билбэппин) сылдьыбытыгар, ол улуу киһи аҕабын, дойдугар (Төбүлэххэ), аҕыйах сыл сылдьыма диэбит үһү. Саас, мин Соболооххо сибээскэ үлэлии олордохпуна, Төбүлэхтииригэр биһиэхэ хонон ааспыта. Сарсыарда мин бырааппын кытта утуйа сыттахпына кэлэн, хоспутун өр баҕайы өҥөйөн тураахтаабыт, тугу-тугу санаахтаабыта буолла. Бука бырастыыласпыта буолуо. Убайым, аҕам өлүүлэрин кэнниттэн, олох диэн нааһаа үүт-тураан буолбатах быһыылаах дии санаабытым. Олох кэлин, эһэм оҕонньор уҥуоҕар сылдьан, эһэлээх аҕам ый эрэ курдук быысаһан өлбүттэрин билбитим. Эһэм оҕонньор уолун «илдьэ барбыт» курдук эбит. Онтон-мантан туоһуласпытым аҕам аҕатын түөрт уон хонугар тиийэн дьаһаммыт. Төбүлэҕим оскуолатын 60 сыллаах үбүлүөйүн ылар сахха, мин аһаабытым курдук аһыы, испитим курдук иһэ сылдьыбытым. Арай туран «Кыымҥа» учууталым Прокопьева М.П. үбүлүөйгэ анаан суруйбут ыстатыйата тахсыбытын таба көрөн аахпытым. Онно учууталым барахсан ааппытын ааттаан туран ахтыбыт аҕай. Оттон мин, үөрэнээччитэ ааттаах учууталым эрэлин хайдах, туох толордум? Оо, дьэ саат-суут да буолар эбит. Маҥнай, хайдах эрэ харда суругу суруйбут киһи дуу диэн иһэн, туох диэн суруйабыный диэн санааҕа кэлэн иҥнэн хааллым: иһэ-аһыы сылдьан кэлиэкэ буоллум, эн эрэлгитин толорботум диэн суруйар сүрэ бэрт дии. Учуутал киһиэхэ биһиги төрөппүт оҕолорун тэҥэ буоллахпыт, үчүгэйбит - үөрдэр, куһаҕаммыт - хомотор буоллаҕа. Чэ, биһиги да көнөр инибит. Ол гынан баран, мин хайдах эмэ арыгыттан араҕыстахпына даҕаны, туох диэн суруйуом эбитэ буолла? Туох да кыайыым-хотуум да, ситиһиим да, киһиргэнэрим туох да суох, саатар, биир үөрэҕи бүтэрбэтим. Аҥардас арыгыбын бырахтым дуу, эмтэттим дуу диэн суруйар эмиэ сүрэ бэркэ дылы… Аны оскуоланы бүтэрбиппит 20 сыла буолла. Оҕолорум барахсаттар сүүрэн-көтөн тэрийбиттэр аҕай. Мин мас-таас курдук оҥостон тиийдэҕим дии. Кэргэним да: «Баран дьэгдьийэн кэл»,- диэн үөрэ-көтө атаарбыта. Бары нэһилиэктэртэн, бэл ыраах Ньурбаттан тиийэ кэлтэр. Кылааспыт оҕолоро бары кэриэтэ бааллара. Ахтыспыппыт диэн сүр. Учууталларбытыттан кылааспыт салайааччылара Валентина Васильевна Жиркова, Николай Алексеевич Коростелев бааллара. Баҕар, өссө ким эмит баара эбитэ дуу, кыбыстыам быатыгар, тиийбиппин эрэ өйдүүбүн. Үдүк-бадык сылдьан туох эрэ диэн тыл этэр быһыылаах этим. Дьэ сүрэ бэрт, итиччэ улахан бэлиэ күммүн, идэбинэн итирик-кутурук сылдьан ылбытым баар ээ… Ол «ньиргиэрдээх» үбүлүөйбүт туһунан учууталларбар уонна бииргэ үөрэммит оҕолорбор туох диэн сана-оноо хаалаахтаабыта буолла? Ордук кыргыттарбар. Кэлин, «эмиэ тугун бырааһынньыгай саҕай, бэйэлэрэ да кыраттан сылдьар, эмтэммит уолаттарын иһэрдибиттэр»,- диэн сэмэлиир саҥалары истибитим. Бэйэмсэх муҥутаан ону аахайбатаҕым даҕаны, кулгааҕым таһынан аһарбытым. Кэлин санаатахха, ол кыргыттарбыт барахсаттарга сүрдээх кыбыстыылаах суол буолуо. Оччолорго төрөппүттэрбит бары кэриэтэ бааллара. Онон биһиги испиппитигэр-аһаабыппытыгар туох да буруйа суох кыргыттарбыт барахсаттар хаарыллан хаалаахтаатахтара. Манна таҕатан эттэххэ, оскуолаҕа сыһыаннаах тэрээһиннэри арыгыта суох ыытыахха баар эбит. Үөрэх диэн сырдык дииллэр дии. Оттон арыгылааһын диэн сырдык утарыта буоллаҕа. Биир бэйэм, хаста-хаста үөрэххэ киирэ¬-киирэ, арыгылаан үөрэҕэ суох хаалбытым. Хаарыан күннэр-дьыллар аастахтара, аны хатыламматтара биллэр. Эдэр-сэнэх сырыттахха, олох диэн төһө да уһун-синньигэс буолан көстүбүн иннигэр, киһи барахсан үйэтэ кылгаһын эриэхсит. Ол сүүрбэ сыллаах үбүлүөйбүтүгэр түһэрбит хаартыскабыт биир да тахсыбатах этэ, эгэ видикпит кэлиэ дуо? Ол курдук дьаабылана сылдьан, кыыһым оскуоланы бүтэрбитигэр, саатар, тиһэх чуорааннарыгар сылдьыбатаҕым, оскуоланы бүтэрии баалын туһунан этэ да барыллыбат. Оҕом барахсан төһө эрэ хомойоохтоото. Ол эрэн, икки илиитэ суох, арыгыһыт аҕа тиийбэтэҕим да көнө диэн бэйэни уоскутунуохха. Дьиҥэр, аҕа ааттаах киһи, оҕолорун биир кэрэ-бэлиэ күннэрин үөрэ-көтө үллэстиһиэхтээх этим буоллаҕа. Уолбар эмиэ оннук хатыламмыта. Оо, сүрдээх аҕабын, киһи кэлэйиэх… Бииргэ аһыыр-сиир дьонум сороҕор, хантан эмэ, кырдьыгынан-сымыйанан булбут харчыбын дуу, арыгыбын дуу уоран иһэн кэбиһэллэрэ. Сороҕор бэйэм эмиэ оннук гынарым. Арыгылыы сылдьан кэпсэтэр кэпсэтиибит арыгы эрэ тула буолара. Ким, хаһан, хайдах арыгылаабытын туһунан. Холобура, ким эрэ кэпсиир: «Биирдэ сарсыарда биэс чааска, «өлөттөрөн», арыгы көрдөнө сылдьан, кими эрэ көрсө түстүм. Киһим: «Абырахтанаҕын?»- диэн ыйытта, түөрт бытыыкканы укта сылдьар эбит (эчи элбээн абыраммытын)». Эһиги испэт дьон оннук кэпсээни итэҕэйиэххит суоҕа. Оттон биһиги, иһэ сылдьар дьон, оннук остуоруйаны, дьэ итэҕэйэр да итэҕэйэр этибит. Ол сырыттахпытына, арыгылааһынтан сылтаан өлүү-сүтүү таҕыстаҕына, аҕыйах хонукка тохтуу түһэн баран, эмиэ күөдьүйэн кэлэрбит. Сыыйа киһи быһыыбытын, кэппитин сүтэрэн барарбыт. Ол ордук киһи өллөҕүнэ көстөрө. Бокуонньукка киирэн сымыйанан-кырдьыгынан кэпсии-кэпсии тахсар аат диэн мэлигир, остуолга олортохторуна даҕаны туран быстыбаппыт. Устунан ыллаан-туойан да турдахха көҥүл. Дьиэбитин бэйэбит оттунар буолан, оҕолорум барахсаттар бэйэлэрэ мастаан-оттоон букунаһаллар. Сороҕор, айыы санаам киирдэҕинэ, тахсан көтөхтөрөн биэрбит мастарын, уунан толорон биэрбит биэдэрэлэрин киллэрсэбин. Мууһу, бэйэм талан, кыайан көтөҕүөх курдукпун, ыраастаан биэрдэхтэринэ, эмиэ киллэрэбин. Хата, портарым мас-муус түһэттэрэн, хайытан-кыстаан сүрдээҕин көмөлөстүлэр. Уот-күөс тардыытыгар этиэх эрэ кэрэх, кэлэн этэргинэн оҥорон биэрэллэр. Улахан кыһалҕа сэрэйбитиҥ курдук, тахсан киириигэ буолара. Кыһын, туолан хаалбыт, уота-күөһэ суох, илиилээх да киһи кыайан хатаабат, сороҕор олох да аана-үөлэһэ суох уопсай туалеттарбыт киһи тылынан кыайан кэпсээбэт кыһалҕаларын үөскэтэллэрэ. Суунарга-тараанарга биир эрэй. Уопсай баанньыкка сылдьарбын кыбыстабын. Биирдэ төрөөбүт нэһилиэкпэр сылдьан, хайдах эрэ өйдөөбөккө, эр дьон күннэрэ диэн, баанньыкка сырыттым. Оҕолор тустарынан өйбөр оҕустарбаккабын, сыгынньахтанан баран киирбитим үксэ оҕо аймах буолан биэрдэ. Дьэ доҕоор, бу дойдуга, оҕолор барахсаттар көрбөтөхтөрүн көрөннөр, суунар аат диэн мэлигир, айахтарын атан баран, одуулааһын бөҕө буоллулар. Биир-икки тааһы үрдүбэр куттунаат, дьиэм диэки дьөгдьөрүйдэҕим дии… Онтон ыла уопсай баанньык диэннэригэр үктэммэтэҕим. Оччотооҕу оройуонум салалтата, порт, оройуоннааҕы инбэлииттэр түмсүүлэрэ мин кыһалҕаларбын өйдөөн, толору хааччыллыылаах дьиэ босхоломмутун биэрэннэр, тута да буолбатар, дьоммор-сэргэбэр төннөрбөр олук уурбуттара, инникигэ эрэл кыымын сахпыттара. Оо, онно абыраммыппын эриэхсит! Дьэ бу үтүөлэрин мин эрэйдээх, тугунан, хайдах төлүөм эбитэ буолла? Арыгыны кыайбыт киһии… Арай аптаах буолуум… Ол эрээри, аптаах киһи хайдах мин курдук дьылҕаланыай? Олох олоруу диэн остуоруйа буолбатах буолаахтаатаҕа. Буолары-буолбаты «мечтайдаан» да диэн. Хата, хаалбыт олохпун арыгыны утары охсуһууга анаатахха хайдах эбитэ буолла? Чэ, бээ, эмиэ «мечтайдаан» эрэбин, бастаан, иһэн-аһаан бүтэн да баран «өйдөөҕүмсүйүөххэ» баара. Дьонум-сэргэм, иһэн-аһаан тэмтэрийбиппин «арыгыһыт» диэн атарахсыппакка, «итириксит» диэн холдьохпокко, «иһээччи» диэн тэйиппэккэ ылыммыттара, өйөөбүттэрэ миэхэ олоххо тардыһыы күүһүн эппитэ, үтүөҕэ-кэрэҕэ талаһарбар угуйбута. Мас-муус, суунуу-тарааныы, тахсан киирэр кыһалҕалара быһаарылланнар, миэхэ сүрүн кыһалҕам арыгылааһыным эрэ хаалбыта. Арыгылааһын быыһыгар, олоххо бэйэни көрдөөһүн салгыы бара турбута. Үлэ булбут киһи…Урукку үлэбин суохтаан бөҕө. Порт үлэһиттэрин тиэйбит автобуһу көрдөхпүнэ, таптыыр үлэлээх диэн дьол буоларын өйдүү түһэрим. Хайдахтаах курдук дьолу мүччү туппуппун кэмсинэбин аҕай да, ааспыт төннүбэт буоллаҕа. Портка бииргэ үлэлээбит, элбэхтэ иһиспит-аһаспыт дьоннорбуттан билигин ахсааннаах киһи хаалбыт. Арыгы обургу соҕуруунан-хотунан эккирэтэ сылдьан, омугуттан, сааһыттан тутулуга суох ииннэтэлээтэ. Кинилэр истэригэр, төһө да истэллэр-аһааталлар үтүөкэн да дьон бааллара. Портар үксүлэрэ кэлии нууччалар этилэр. Биһиги кинилэри кытта тэҥҥэ иһэн-аһаан баран, үлэбитигэр итирик туруктаах кэлэн, премиальнайа суох хааларбытынан, тугу-тугу гыммыппытын өйдөөбөппүтүнэн, дьиэҕэ-уокка айдааммытынан, милииссийэҕэ дойдуланарбытынан улаханнык уратылаһар этибит. Убайдарбыт айбыт «астарын», биһиги аймах, кинилэр курдук «аһыырга» хаһан да үөрэниэ суохпут быһыылаах. Үөрэниэхпитигэр диэри сир үрдүттэн сүтүүһүкпүт курдук көрөбүн. Бэл, уһуннук хоту олорбут, эбэтэр манна төрөөбүт нуучча син биир биһиги курдук арыгыга ылларан хотторор, сыыйа олохтоохтор курдук буода буолар, өлөр-сүтэр эбит. Арай, куттал суоһаатаҕына, биһиги курдук өсөһөн төттөрүтүн оҥорботтор, кыаллар буоллаҕына, барытын эйэ дэмнээхтик быһаараллар. Кыра кыралаан радиоэлектроннай аппаратураны чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаммытым. Киэҥник-куоҥнук ылсыахпын, саппаас чаас көстүбэт. Онуоха эбии киһи көмөтө суох сатаммаппын уонна иһэрим-аһыырым улахан мэһэйдэри үөскэтэллэр. Биир эмэ аймах оҕону көрдөһөн-ааттаһан көмөлөһүннэрэбин. Ол гынан баран, саҥа инбэлиит буолбут, иһэр-аһыыр киһи, киҥим-наарым сүрэ бэрт буолан, оҕолор сыстан биэрбэттэр, куттаналлар.
Бэйэм курдук туттубатахтарына, тугу этэрбин өйдөөбөтөхтөрүнэ тута тырытта түһэрим, мөҕөрүм-этэрим да элбэҕэ. Сороҕор, хамнаһыгар харчы төлөөн баран, иһэ сылдьан, төттөрү көрдөөн ылан иһэн кэбиһэрим. Ким эмит тугу эрэ оҥоттордоҕуна, аны арахпакка сордуурум. Эбэтэр хамнаспын абаансанан ылан баран сүтэн хааллахпына ол суох. Ол саҕана, өҥө оҥотторор дьон суоппардарга, трактористарга, оннооҕор оҕо төрөтөр балыыһа үлэһиттэригэр тиийэ арыгынан күндүлүүр куһаҕан адьынаттаахтара. Биир үксүн, ол элбэх киһини арыгыһыт оҥорбута. Ол курдук төһө өр сылдьыам эбитэ буолла? Биир Саҥа дьылы ахсынньы отут биир күнүттэн саҕалаан ый курдук «көрүстүм». Маннык уһун арыгылааһын туоҕунан дьиэлийэн тахсыахтааҕын сэрэйдэрбин да, хайдах да тохтообоппун. Биирдэ эмит, өйүм түгэҕэр, туох эрэ буолаары гынным диэн оҕустаран ааһабын. Бу курдук дьаабылана сылдьан, биирдэ дьиэбэр киирбитим - балтым кэлэн олорор. «Күтүөтүҥ ыҥырар, сибилигин бара охсор үһүгүн»,- диэн буолла. Мин, арыгы быһа сиэн кэбиспит мэйиибинэн, туохха эрэ наадыйдахтара, хата, «ас-таҥас» тахсаары гыннаҕа диэн, түргэн соҕустук хомунан, балтыбын кытта «подружкалаһан» баран түһүнэ турдубут. Баран иһэн кэпсээтэ: «Арыгыбын эмтиир киһини кэпсэттэргит буоллар диир этиҥ, өйүүн күтүөтүҥ, биһиги нэһилиэкпит уон иһээччитин (эчи бачча кыра нэһилиэккэ элбээн абыраммытын) илдьэ Сайдыыга Прокопьевнаҕа бараллар». Кырдьык, иһэ-аһыы сылдьан: «Прокопьевнаны (норуот эмчитэ) кэпсэтиҥ»,- диэн бэйэм эппиттээҕим. Тылланан баран аккаастанар сүрэ бэрт буолсу, хайа, уонна өйүүҥҥэ диэри, «эмтэнэн абырыыр» киһини күтүөт «абырахтыыр» ини диэн бүччүм санаалаах барыстым. Аата, кинилэр иннилэригэр эмтэнэргэ дылы буоллаҕым диэн бэйэбиттэн-бэйэм кэлэннэрбин да, били, түгэх санаам кэлэн мэһэйдии түһэр. Өссө аармыйаҕа барыам инниттэн, «иһэрдэр-аһатар» дьонтон, арыгыттан куоппут аатыран, эдьиийбэр тиийэн атаахтаан тараҥныыр этим. Кырдьыга, биһиги арыгыһыттар, сүрдээх атаах дьоммут. Ким эмэ: «Оо, бу эрэйдээх буорайбыт»,- диэн төбөбүтүттэн имэрийэ сылдьыан наада. Дьиҥэр, биһиги аймах билиҥҥи көлүөнэ дьонугар мин улаханнара буолабын, онон бас-көс, сүбэ-ама, көмө-имэ буолуохтааҕым эбитэ буолуо. Ону баара, эдьиийбэр тараҥныы сатаан баран, «убайдара», «бас-көс» киһилэрэ, аны бу балтыбар сиэттэрэн истэҕим. Оо, сүрүүн! Икки хонугу быһа кыралаан аһыы-аһыы (ас кыайан киирбэт, үксүн ууну хааланабын) утуйан таҕыстым. Санаабар күтүөтүм, урут аһыы сылдьыбыт киһи, өйдөөн «абырахтыа» диэн сэмээр кэтэһэн көрдүм да, мэлийдим. Эмчиккэ илдьэрбэр бытыыкканы булан биэриэм диэбитэ (эмтииргэ туттуллар үһү). Түүн аайы дэлби баттатабын, хаһыытаан-ыһыытаан аҕай уһуктабын. Түүллэрбин бу диэн өйдөөбөппүн да, ынырык түүллэр быһыылаахтара. Сорох дьон, туох эмэ буолаары гыннахтарына туох да үүнэ-тэһиинэ суох арыгылааччылар. Мин Саҥа дьылы ыйы быһа «көрсүбүппүттэн» дьаарханан күтүөтүм: «Били убайбыт, Саҥа дьыллаан бүтэ илик үһү. Өлөөрү гыммыта буолуо, баран булан, хайдах эрэ албыннаан (иһэ сылдьар киһини албынныыргар эрэ тиийэҕин, били бэйэлээҕин харыһыйан куотан хаалыа буоллаҕа дии) аҕала оҕус. Хайдах эрэ эмтэтиэххэ баара»,- диэн балтым барахсаны ыыппыт. Мин да, баллаччы «эмтэнэҕин», бара оҕус диэбиттэрэ буоллар, кэлиэ суохтааҕым эбитэ буолуо. Ону, урут иһэ сылдьыбыт күтүөтүм «суобаһыгар» эрэнэн (булгу «абырахтыа» диэн) «бэриннэҕим». Тохсунньу 31 күнэ, 1995 сыл. Бу күн мин иккистээн төрөөбүтүм. Төрөппүттэрим Мария Прокопьевна, Григорий Михайлович Федотовтар. Төрөөбүт сирим Муома Сайдыыта. Эмтээһин ымпыгар-чымпыгар киирбэппин. Ол гынан баран аҕыйах түгэни ахтан ааһар наадалаах. Баҕар, арыгыттан арахсыан баҕарбыт киһиэхэ туһалыа диэн санааттан. Прокопьевна, сорохтортон, төһө кэмҥэ эмтэтэҕин диэн ыйыталаһарын дьиктиргээбитим. Эмтэтэр киһи тоҕо кэмнээн эмтэтиэхтээҕий? Миигиттэн ыйыттаҕына, букатын диэҕим дии санаабытым да, эмчитим урутаан: «Эн үс ый иһигэр испэтэххинэ, аны хаһан да иһиэҥ суоҕа»,- диэн быһа этэн кэбистэ. Киһи ис санаатын билэрэ эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, билбэтим. Сайдыылар барахсаттар, биһиги бэйэлээхтэр эмтэнэрбитигэр дьиэ булан, бэлэмнээн тоһуйбуттар. Эмтэнэн бүтэн, төһө да аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр, икки харахпыт быччайан тахсыар диэри хотуолуу олорбут дьон, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, санаалыын көнньүөрэн олорбуппут баара…Кэлин, бу дьон, миигиттэн уратылара бары арыгыларын испиттэрэ, ол эрээри, испэтэх кэмнэригэр дьоннорун-сэргэлэрин сынньатан ыллахтара, бэйэлэрэ да дьэгдьийэ түһэн, атын олох диэн баарын биллэхтэрэ. Этиллибитин курдук мин үс ый иһигэр иннэ-бүргэс үрдүгэр сылдьыбытым. Урукку бииргэ аһыыр-сиир дьоммуттан саһар, аата ахса биллибэт бырааһынньыктартан куотар аакка барбытым. Хас бырааһынньык чугаһаатаҕын аайы, холодильныгы, ыскааптар, гардероб муннуктарын кистээн өҥөйтөлүү сылдьарым (урут бырааһынньык «аһын» кистиир сирдэрин), онтон ылыллан кэчигирэһэн туралларын көрдөхпүнэ, дьэ уоскуйан, тиҥсиринэн бүтэрим. Бырааһынньыгы кытта тэҥҥэ эмиэ эрэй бөҕөтө саҕаланара, испэр: «Кыратык, саатар, һампааныскай испит киһи»,- диэн санаа бөҕөтө үүйэ-хаайа тутара. Ол эрээри, испэт буола сылдьыбыт аҕыйах хонуктарым сырдыктара, кэрэлэрэ син кыайа тураллара. Айахпар арыгы ханнык баҕарар көрүҥэ, таммах да саҕа түбэстэҕинэ, урукку кэппэр түһэрбин бэркэ диэн өйдүүрүм уонна онно төннүөхпүн олох баҕарбатым. Түһээн арыгылыы аххан сылдьар буолааччыбын. Ол түһүү сытан: «һуу! Доо, үчүгэйдик да сылдьыбытым, хайдах эмиэ иһэн кэбистим?»- диэн соһуйан-өмүрэн аҕай уһуктарым. Саҥа Дьылы быраатым аахха мустан ыллыбыт. Күнүс тастыҥ балтым эрийэ сылдьыбыта: «Прокопьевна кэлэ сылдьыбыта, эйигин сураспыта, үчүгэйдик сылдьаргын истэн үөрбүтэ уонна пирибиэт ыытар»,- диэн сонуннаах этэ. Бырааһынньык ортотун диэки утатан, остуолтан түбэһиэх утахтаах иһити хаба тардан ылан, иһээри туран, шампанскайдаах иһити ылбыппын өйдөөн көрбүтүм. Ханна эрэ өйүм түгэҕэр: «Чэ, буоллун, кыра дии… туох буолуой?»- диир санаа кылам гынан ааспыта. Онтон эмискэ Прокопьевна пирибиэтэ өйбөр көтөн түспүтэ. Хаһан да оннук пирибиэт ыыппат этэ дии. Мин арыгылаах иһиппин төттөрү уурбутум… Биирдэ, урут оскуолаҕа дириэктэрдии сылдьыбыт таайым аахха антенна туруорса сырыттым. Аһыы олорон саҥаһым: -Оҕо айар киинигэр радиотехническай куруһуок аспаккын дуо? Сөбүлэһэр буоллаххына, мин кэпсэтиэм этэ- диэбитин: -Эс, арыгылыы сылдьан кэлиэкэ буолбут киһини ким оҕолорго чугаһатыай?»- диэн батан кэбистим. Ол эрээри, испэр: «Миэхэ сөптөөх үлэ ити эрэ быһыылаах»,- дии санаатым. Киэһэ телефонунан: «Кэпсэтэн көрүүһүккүн»,- диэбиппэр дьонум бэйэбинээҕэр үөрдүлэр. Аҕыйах хонугунан учуутал буола түстүм. Маҥнай куруһуогу куруһуок курдук, туспа кабинет иһигэр ыытыах курдук санаммытым табыллыбатаҕа. Оҕолор теорияны сөбүлээбэтэхтэрэ. Онон сыстыах курдуктарын талан, ыалынан сылдьан радиоэлектроннай техниканы өрөмүөннүүр практикаҕа көспүтүм. Сайыныгар ыраах, чугас нэһилиэктэри барыларын хабабыт. Бииргэ үлэлиир дьоммун сөбүлээбитим. Бары да бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилээх дьон этилэрэ. Биирдэ директорым: -Оҕолорго арыгылааһын буортутун туһунан, бэйэҥ холобургар олоҕуран кэпсиэҥ этэ дуо?- диэн эппитигэр сөбүлэммэтэҕим, эбиитин өһүргэнэн үлтү түһэ сыспытым: -Хайдах, үөрэтэ сылдьар оҕолорбор, арыгыһыт-иһээччи этим диэн кэпсиэмий? Кыбыстыыта да бэрт… Хайа, ол кэнниттэн куруһуогум үрэллэр буоллаҕа дии. Билигин, ол бастакы дириэктэрим, Наталья Гаврильевна Петрова дьиҥнээх Саха дьахтара, Ийэ, инникини өтө көрөр мындыр өйүн сөҕөбүн эрэ. Билигин Өктөмҥө олорор. Барахсан оҕо, норуотун туһугар кыһаллара-ыалдьара бэрт буолан, оччолорго, саҥардыы эмтэммит арыгыһыкка, ким да эппэтэҕин эттэҕэ. Ол кэмҥэ, аҕыйах сылынан, бэйэм арыгылааһыны утаран, буолан-хаалан туруохпун түһээн да баттаппат этим. Таайым аах саҥаспынаан биһиги аймах үөрэхтээх буоларбыт туһугар элбэх сыраларын биэрбит дьон. Ону, тус бэйэм, сатаан туһамматаҕым. Саҥаһым бэйэтэ ол кэмҥэ, оҕо айар дьиэтин иһинэн, «Ситим» диэн фольклорнай ансаамбыл тэрийэн, оройуон иһигэр-таһыгар сылдьан аатырбыт кэмэ этэ. Онтон мин радиокуруһуогум оҕолоро сыыйа-баайы биллэн баартара. Тылланааччы да элбээбитэ. Онно мин сиргэ кэлбит аналбын толорорго сөптөөх суолга туран эрэрбин өйдөөбүтүм. Бу сиргэ дьон махталын, алгыһын ылартан ордук дьол суох быһыылаах. Онно уйдаран үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар үчүгэйин билбитим. Үтүөнү оҥоруу үтүөнэн эргийэр эбит. Дьэ, хараҕым аһыллан «кэрэ «Ю» хайабыт» диэн кырдьык да кэрэтин, аан дойду үрдүнэн биһиэхэ эрэ баарын өйдөөбүтүм. Дойдубут барахсан салгына ырааһын, чэгиэнин. Ымсыырар омуктарбытыгар маннык тыытыллыбатах кэрэ айылҕа диэн суох ээ. Биһиэхэ эрэ баар. Маны иһэ-аһыы сылдьар киһи өйдөөн көрбөт, истибэт. Биһиэхэ айылҕа кэрэтин туһунан өйдөбүл, «сидим, выпиваем на лоне природы» таһымыгар эрэ хаалбыт. Ол аата, айылҕаҕа сылдьыы арыгылааһына суох сатаммат курдук. Бэл диэтэр аал уоппутун арыгынан айах тутары, хотугу омуктар итэҕэллэрин сүрүн өйдөбүлүн таһымыгар таһаардыбыт. Итэҕэл диэн олус киэҥ өйдөбүл буоллаҕа. Биһиги итэҕэлбит сэбиэскэй саҕана сиргэ-буорга тэпсиллибэтэҕэ буоллар, куһаҕаҥҥа наһаа иһэниэ суох этибит. Испэт кэммэр, улууһум дьоно рынок ыар тыыныгар ылларбытын өйдөөбүтүм. Миигин дьон кыһалҕатын тугунан чэпчэтиэххэ сөбүй диэн санаа үүйэ-хаайа тутара. Аармыйаттан кэллэхпинэ, били бүтүн Союз үрдүнэн аатырбыт-сураҕырбыт «Муома» сопхуос туппут тутуулара эргэрэн, суолларбыт алдьанан-кээһэнэн, Хонуу диэн кэрэ ааппыт сурукка эрэ хаалан, дьиэлэрбит киирэр ааннара итирик дьон табахтарын тобоҕунан, иччитэх арыгы бытыылкаларынан туолан эрэллэрин, дьэ хараҕым аһыллан, өйдөөн көрбүтүм. Биһиги туох буоллубут? Туохтан маннык кырыктанныбыт? Тоҕо дьон-сэргэ майгыта уларыйда? Ханна бардылар 60-с, 70-с сыллардааҕы аһыныгас, эйэҕэс, ыалдьытымсах, үлэһит Муомам дьоно-сэргэтэ. Ама өлөн-сүтэн бүттүлэр дуо? Оттон оччотугар биһиги хантан кэлэн хааллыбыт?
Олох ыарахан, олохпут оннук диэни кытта сөпсөһөр санаам суох. Бу ыйытыктар хоруйдара тоҕо эрэ биир сиргэ түмүллэллэр: арыгылааһыҥҥа. Арыгылааһыны утары туох эрэ үлэ ыыппыт киһи. Ону кыайыам дуо мин? Бэйэм иһэн кэбиһиэм суоҕа дуо? Арыгыларын эмтэтэн баран хат испит дьону элбэҕи билэбин. Эбэтэр, аҕыйах хонукка иһимээри, «арыгыһыттар баҕайылар» диэн этэн-тыынан баран, сотору бэйэтэ арыгылыы сылдьар, эбэтэр, соторутааҕыта бэйэтэ арыгы долгунугар оҕустаран тимирэн иһэн өрүһүнэн баран арыгынан эргинэр дьону. Оннук эрэ буолбатах киһи. Дьэ ыарахан буолсу. Ол гынан баран олорон биэрдэхпитинэ өссө иэдэйииһикпит. Биһиги дойдубутугар сөп буола-буола, арыгылыырбыт быыһыгар, өйдөнөн кэлэ-кэлэ арыгыны утары охсуһуу хампаанньатын ыытабыт ахан. Ол гынан баран онтубут быстах кэмнээх хамсааһын. Бу хамсааһын кэнниттэн уһун кэмнээх уоскуйуу саҕаланар. Умнан кэбиһэ-кэбиһэ хампаанньаны ыытыы туһата суох, ураҕаһынан ууну таһыйан баҕаны куттаабыт тэҥэ. Манна уоскуйуута суох, кумааҕыга эрэ буолбакка, араас хайысханан дьиҥнээх охсуһуу барыахтаах. Бу тэҥэ суох охсуһууну ким эрэ саҕалыан наада быһыылаах. Мин курдук тугунан да кэмнэммэт иэдээҥҥэ аны ким да түбэспэтэр ханнык. Бэйэбинэн холобур туттан, манныкка тиийимэҥ диэн кэпсээтэххэ, өйдүөхтэрэ эбитэ дуу? Арыгы диэн убайдарбыт киэн туттар, абыраллаах «астара» Сахабыт сирин булуоҕуттан төһөлөөх кэм ааспыта буолуой? Ол тухары арыгыттан абыранным диир баара биллибэт да, иһиллибэт даҕаны. Сыл-хонук аастаҕын аайы иһээччилэр ахсааннара эбиллэ, хаҥыы турара киһини эрэ сөхтөрөр, дьиксиннэрэр. Бу хаһан эрэ өйдөнүөх муҥмут буолла. Билигин бу биһиги кырачаан улууспутугар өлүү-сүтүү, ыалдьыы-туттуу арыгы кыттыгаһа суох буолбат. Ону ол диэбэккэ иһээччилэрбит ахсааннара күн-түүн элбии турар. Өлбүтү эдэрдэр солбуйаллар, хайдах эрэ улахан итэҕэл сэриитэ бара турарын курдук, ким да иннин биэриэн баҕарбат. Манна үөрэхтээҕиттэн, үөрэҕэ суоҕуттан, тойонуттан-кулутуттан, оҕотуттан-дьахтарыттан, баайыттан-дьадаҥытыттан тутулуга суох, ол гынан баран, истэр тухары, хотторуулаах биһиги буолабыт быһыылаах. Арыгы обургу бүтэн да быстыа суох, били, саха бөлөһүөгэ Улуу Кулаковскай эппитинии, араастаан дьүһүн кубулуйан өрө дэбилийэн тахсан иһэр. «Арыгы куһаҕанын билэбит-өйдүүбүт»,- дии-дии ис да, ис буолабыт. Ити ис дьиҥэр, арыгы буортутун, кутталын билбэппиттэн, өйдөөбөппүтүттэн тахсар. Ханна эрэ, тугу эрэ, сэрэйиллэр да, өлүү-сүтүү, дэҥ-оһол буолар да буоллаҕына, биһигиттэн ханна эрэ ыраах буолар курдук саныыбыт да, дьиҥэр, олох аттыбытыгар баар, бытыылканы кытта хаһан баҕарар кэлиэн сөп. Бэйэмсэх муҥутаан, бэйэбит атахпыт аннын көрбөппүт. Дьиҥэр, иһээччи диэн, олох-үлэ ыарахаттарын тулуйбакка, арыгынан саптына сылдьан устунан иһээччи буолан хаалбыт киһи. Арыгыһыт үксэ, өйдөөҕөр, биир тылы кыайан ыган таһаарбат, айылҕаттан симик, кыбыстанньаҥ. Холобур, бэйэтин наадатын тойоҥҥо-хотуҥҥа этэригэр, элбэх киһи ортотугар, кыыһы кытта билсэригэр саҥаран-иҥэрэн испэт, онтон арыгыны амсайыа эрэ кэрэх, саҥалыын-иҥэлиин уларыйар, киһини барытын кыайар-хотор, кэһэтэр-самнарар аатырыа, кини эрэ кыайыгас, күүстээх, өйдөөх, кэрэ аатырыа. Билиҥҥинэн эттэххэ, комплекстаах, туох эрэ итэҕэстээх-быһаҕастаах дьон арыгыга ылларымтыалар. Быһатын эттэххэ, арыгы эрэ истэхтэринэ бэйэлэрин киһи курдук сананаллар. Биһиэхэ, хотугу омуктарга арыгы дьайыыта итинник буолар. Билигин дьиэлэринэн ыаллар электроннай аппаратураларын чөлүгэр түһэрэ сылдьан, арыгылааһыны утары үлэни ыытабын. Кырачаан ситиһиилэр бааллар. Дьон өйдөнүөх курдук, кырдьыга, атыылаһан ыла-ыла, хайа да муҥун, наар куһаҕаны эккирэтэ сылдьыахпытый? Арай сорох көммүт-өйдөммүт диэн эрэммит дьонум уора-көстө иһэллэрин иһиттэхпинэ, санаам түһэр. Биир нэһилиэккэ үлэлии сырыттахпына, дьиэлээх киһи таһырдьа табаахтыы олорон: -Эн «Индигир уоттарыгар» тахсыбыт интервьюгун ааҕан баран, арыгыбыттан аккаастаммытым,- диэтэ. Бу интервью мин үлэм саҕалааһына этэ, ол иһин соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум. -Бай, эмтэммэккэ эрэ бырахтыҥ дуо? -Эмтэммэккэ эрэ. -Дьэ, кытаанах уол буоллуҥ дии. Мин, биһиги омук көмөлөһүннэрбэккэ кыайбат дьабына дии саныыр этим.- Киһим: -Үтүө дьыаланы саҕалаатыҥ,- диэн миэхэ махтанна. Бэйэм, өйөөбүтүн иһин, эмиэ хардары махтанным. Кэлин бу доҕорбун кытта, Аҕалар Сүбэлэригэр уонна арыгылааһыны утары үлэлэргэ элбэхтик алтыспытым. Үксүгэр сорохтор, ол атаспын, оннук айылаах иһээччи буолбатах этэ дииллэр. Ол киһи миэхэ махтанарыгар мин биири өйдөөбүтүм: хас биирдии киһи бэйэтиттэн саҕалыахтаах, бэйэтинэн холобур буолуохтаах. «Кыратык» (ол аата таммаҕынан дуу, чаайынай луосканан дуу), «өйдөөхтүк» (туох эмэ таҕыстаҕына тута «өйдөөбөт» буола түһэбит), «биирдэ эмит бырааһынньыкка» (билиҥҥи сыл аҥаарын быһа бырааһынньыктыыр кэмҥэ) диэбэккэ эрэ. Арыт, бэйэбиттэн ыйытааччылар: «Оннук айылаах, иһээччи этиҥ дуо?»- диэн. Киһи барахсан араастаах буоллаҕа: сорох итинник умнан кэбиһиэ, сорох үйэ-саас тухары «эн да испитиҥ» диэн сирэй-харах анньа сылдьыа. Дьыл-күн ааһан истэҕин аайы, бэйэм да, хайдах эрдэ өйдөөбөтөхпүн сөҕөбүн, хаарыаннаахай эдэр сааспын халтайга ыыппыппын, бэйэм-бэйэбиттэн күнү-дьылы уорбуппун. Бэйэм курдук ааттаах, биир атаһым эмиэ мин суруйууларбын улаханнык сэҥээрэр, өйүүр. Кинилэр нэһилиэктэригэр тиийдэхпинэ, күүс-көмө бөҕө буолааччы. Урут эмиэ иһэ-аһыы сылдьыбыта. Билигин эмиэ мин курдук суруйар. Дьонум сэмэйдэрэ бэрт, ол иһин ааттарын ааттаабатым, баҕар, сөбүлүөхтэрэ суоҕа диэн санааттан. Уонна мин бу үлэбэр, наар бэйэбин эрэ холобурдаан, кэпсииргэ быһаарыммытым, атын кими да хаарыйбакка эрэ. Иһэ да сылдьар дьон хаһыакка суруйар ыстатыйаларбын сэҥээрэллэрин биллэрбиттэрэ. Биир истэр эрэ, ыйы быһа тохтообот атастаахпын. Тохтоотоҕуна ыйы быһа тулуһар. Биирдэ: -Арыгы куһаҕанын өйдүүбүн да, испитим эрэ баар буолар,- диэтэ. -Ээ, доҕоор, сыыстараҕын. Эн өйдөөбөт буолаҥҥын иһэҕин,- диибин, устунан мөккүһүү саҕаланар: -Дьэ маннык, Охоноос, эн арыгылаан кыһалҕа бөҕөтүн аҕалаҕын: үлэҕэр тахсыбаккын, эйигин ким эрэ солбуйар, биллэн турар босхо, табаарыс туһугар диэн, сөбүлэһэҕин? -Сөп бөҕө буоллаҕа дии. -Оттон үлэлээбитэ буолан сүөдэҥнээтэххинэ даҕаны, аны учуутал быһыытынан үөрэтэр оҕолоргор хайдах курдук куһаҕан холобуру көрдөрөрбүн эмиэ өйдүүбүн диэ? -Эс, доҕор, өлөр итирик оҕолору үөрэтэ иликпин ээ. -Өссө өлөр итирик үөрэтэриҥ итэҕэс дуо? Эн сыттаах да оҕо иннигэр тахсыа суохтааххын. Үөрэтэр оҕоҥ, оннооҕор учууталым итириктиир диэн холобур оҥостуо дии санаабаккын дуо, арыгы куһаҕанын, буортутун «өйдүүр өйгүнэн»? Салгыы барабыт, аны үлэҥ хотуна испиккин билэн, кыыһырар, тымтар, онто атын үлэһиттэргэ бэриллэр. Ол аата, эн бүгүн бүтүн тэрилтэ үлэлиир тэтимин ыһан кэбистиҥ. -Ээ, доҕор, эргитэн аҕалбытыҥ тугун эриэккэһэй. Итинник мин өйбөр олох киирбэт этэ. Кырдьык да өйдөөбөт эбиппин ээ. Мин иһэммин эһигини хайаатым дии саныыр этим,- диэбитэ атаһым. Сорохтор арыгылааһын туһунан суруйууларбын сөбүлээбэттэр (иһэ сылдьан эрэ кэпсээтэхтэринэ). Кырдьыктарын этитэр буоллахтара. Тохтуу сылдьар кэмнэригэр: «Сөпкө суруйар эбиккин»,- диэччилэр. «Кыратык», эбэтэр «култуурунайдык» иһии туһунан. Хайа да норуокка арыгы иһээһин, табахтааһын сиэрэ-туома диэннэр бааллара иһиллибэт. Арай Америка индеецтэрэ «трубка мира» диэннээхтэрэ биллэр. Ол гынан баран, ол индеецтэри кыайарга арыгы хото туһаныллыбытын умнар сатаммат. Сахалар бэйэбит да «баҕа өттүбүтүнэн холбоһуубут» арыгыта суох буолбатаҕа оҥоробун. Хараҥа уонна сырдык, уот уонна уу, үтүө уонна мөкү, арыгылааһын уонна култуура атын-атын, утарыта турар өйдөбүллэр. Иһэн баран уулуссаҕа охто сытар, таҥаһыгар холлубут-хотуолаабыт киһийдэҕи бу «култуурунайдык» иһэн баран, «култуурунайдык» сынньана сытар диэҕи тылым өҕүллүбэт. Ону ааһан, кинини «кыратык» иһэргэ үөрэтиэҕи сатаан санаабаппын. 1999 сыл бүтэһигэр Кузьмина В.М. диэн эмчит биһиги улууспутугар кэлэн Шичко ньыматынан арыгылааһынтан, онтон да атын куһаҕан дьайдартан босхолонор ньыманы үөрэтэн барбыта. Киһи арыгылыырын тылынан хайдах эмтиэххэ сөбүн билээри, онно сылдьыбытым. Дьэ кырдьык да, сөпкө туһаннахха, арыгылааһыны кыайар ньыма бу эрэ баар эбит диэн санааҕа кэлбитим. Хонуубут иһэ мэктиэтигэр сырдаабыкка дылы буолбута. Ону эмиэ куруук буоларын курдук, тэриллибити ыһан кэбиспиппит. Кулууптары тэринэн чэбдигирдэр кииннэргэ кубулутан үлэлээбит эбитэ буоллар, төһөлөөх туһа тахсыах этэй? Күһүҥҥү сарсыарда Хонуум устун хааман иһэбин. Тыыныахха бу салгына ырааһын, чэбдигин. Көрсөр дьонум бары дорооболоһон, мичээрдээн ааһаллар. Урукку курдук: «Нохоо, ити бэҕэһээ туох айылаах буоллуҥ?!», эбэтэр: «Иэскин хаһан биэрэҕин?!»- диэн муннукка ыгыахтара-түүрүөхтэрэ диэн куттаммаккын, кыбыстыбаккын. Кимтэн да, туохтан да тутулуга суох диэн баар эбит – улуу дьол. Биһиги айылҕа оҕолоро буоллахпыт, ол иһин эппит-хааммыт айылҕа курдук уйан, бэйэтин оһорунара бытаан, өйбүт-санаабыт кимтэн да, туохтан да тутулуга суох буолуон баҕарар. Уһун кыһыны быһа хотоҥҥо турбут сүөһүнү сааһын таһырдьа таһааралларын көрбүккүт буолуо дии? Хайдаҕый? Хотугу киһи эмиэ оннук. Арыгыга ылларыы эмиэ ол тэҥэ. Барыта арыгыттан тууйулла-баайылла сылдьар буоллаҕыҥ. Көҥүл диэн суох. Арыгы эйигин бэйэтин хотонун иһигэр тутар, бэйэтиттэн ыраатыннарбат. Мин өйдөнүмтүө буоллун диэн ынаҕынан холобурдуубун. Арыгыттан босхоломмут киһи, сааһын хотонтон тахсыбыт ынах кэриэтэ буоллаҕа. Оттон уһуннук испэккэ сырыттаххына, самаан сайын кэлбитин курдук, ханна баҕарар мэччий, ханнык баҕарар оту тэпсэ сылдьан сиэ, көҥүл буол. Ыары гыннахтарына булуохтара. Эн мэччий, ыраас салгынынан тыын.
Итэҕэллээх омуктар арыгыга ылларбаттар. Ол гынан баран, киһи обургу итэҕэли, бэйэтин омугун өттүгэр иэҕэр, мөкү идэлээх. Улахан, биллэр итэҕэллээхтэр биһиги эрэ сөпкө этэбит, биһиэнэ эрэ кырдьыктаах дэһэллэр. Ол курдук православнай итэҕэл арыгыга сымнаһыар сыһыана, биһиэхэ куһаҕан эрэ өттүнэн дьайар дии саныыбын. Элбэх нуучча киһитин кытта сэлэһэн көрдүм да, арыгылааһын өттүгэр биир санааҕа кэлбэтим. Холобура, өлөрүмэ, уорума, атын киһи ойоҕор ымсыырыма диэннэри. Убайдарбыт балары барытын түктэритин оҥороллорун бэйэбит көрө-истэ сылдьан, сөпсөһүөххэ сатаммат. Ханныктаах да ыар буруйу, таҥараттан көрдөһөн-ааттаьан алы гыныахха сөп диэн үөрэх, төһө сөбө буолла? Эһиги «язычниктар» окко-маска сүгүрүйэҕит диэн буолар. Оттон «причащенияҕа» Иисус хаана диэн, бэйэлэрэ оҥорбут «Кагор» диэн кыһыл арыгыларын амсаталлара, миэхэ ол этэр «язычестволарыттан» наһаа ырааппатахтарын көрдөрөр. История кэрэһэлииринэн убайдарбыт бэйэлэрэ хаһан эрэ «язычниктар», «варвардар» диэн ааттана сылдьыбыттара. Ону умна охсубуттара сүрдээх хомолтолоох. Биир бэйэм, айылҕаттан аһаан-таҥнан олорон, Айылҕабар тоҕо сүгүрүйүө суохтаахпыный?! Биһиги бэйэбит итэҕэлбит, атын омук итэҕэлин кытта буккуһан, өйбүт-санаабыт эмиэ буккулунна. Холобура, өбүгэлэрбит уоту арыгынан аһата туралларын хайдах да ылыныах санаам кэлбэт. Билигин да, хам-түм бэчээккэ: «Сахабыт үгэһинэн уоппутун аһаттыбыт..», «Эһэккэбит үөрэн тачыгырыы түстэ..» эҥин диэн тахсааччы. Кырдьык, бэйэм иһэр эрдэхпинэ, улаханнык итэҕэйэн, маннык эрэ уоту «аһатыллыахтаах» дии саныырым. Нууччалартан ыйыттахпына, ити языческай ритуал, бэйэҕит киэҥҥит дэһэллэр. Ол аата, иһэр баҕаттан бэйэбит айбыппыт курдук буолан тахсар. Убайдарбыт Таҥара дьиэтиттэн тахсан, бүгүн оннук таҥара күнэ эбит, бэлиэтии охсуохха диэн тиэтэйэн аххан иһэллэрин хаста эмит көөртүм. -Бэйэ эрэ, таҥара күнүгэр арыгылыыр көҥүллэммэт буолбатах дуо?- диэтэххэ: -Здрасьте, ол мусульманнарга көҥүллэммэт, биһиги кыратык иһиэхпитин син,- дэһэллэр. Оччоҕуна, биһиги норуоппутун быыһыыр туһуттан мусульманскай итэҕэли ылынарбыт ордук курдук да, онтубут кырыга бэрт. Ол кэриэтин, бэйэлээх бэйэбит Айыыбыт Үөрэҕэ, атын омуктан киириини ылҕаатахха, ордук быһыылаах. Киһини тиһэх суолугар атаарыыга төбөтүгэр арыгылаах иһити туруоруу, аһары баран хоруобугар арыгы уган ыытыы (бу барахсан анараа дойдуга тиийэн бытыыккатын туппутунан ырайга киирэр ааҥҥа тураахтыыра дуу, аллараа утаарыллыбыта дуу), уруу остуолун курдук хаста да төхтөрүйэн туран аһыыр бамыынкалар курдук мөкү майгы хантан кэлээхтээбитэ буолла? Оҕо сылдьан тоҕус, түөрт уон хонук, биир сыл диэннэр баалларын өйдөөбөппүн. Сэбиэскэй саҕана өссө биир куһаҕан кэмэдьи үөдүйэ сылдьыбыта: анаан хаартыскаҕа түһэрээччини сакаастаһан, бокуонньугу хоруопка сытарын түһэртэрии. Киһи өлбүтүнэн буолбакка, тыыннааҕынан өйгө-санааҕа хаалара ордук быһыылаах дии. Билигин, сүтүктээхтэри анаан кэрийэ сылдьан арыгылыыр дьоннор бааллара мэлдьэх буолбатах (хата, кинилэр ааҕаллара-суоттууллара онно киирэр). Биир бэйэм ити хонуктары ааҕарбар буккуллааччыбын. Былыр нууччаларга «плакальщицалар» диэн анаан ыҥырыллан кэлэн, ытыыр-соҥуур дьахталлар бааллара диэн кэпсээччилэр. Билигин буоллаҕына, бокуонньук кэриэһигэр үрүүмкэ көтөҕөөччүлэр диэн буолбуттара эбитэ дуу? Аны уруу туһунан. Иһэр эрдэхпинэ, элбэх арыгылаах, хастыы эмит күн барар уруулары сөбүлүүр да этим. Эдэрдэргэ анаан уоттаах-төлөннөөх «этиниилэрбиттэн»: «тоҥмуту ириэрэҕит, аччыктаабыты аһатаҕыт» (бука, сарсыныгар «өлөттөрөн» кэллэхпинэ «абырахтыыгыт» диэн өйдөбүллээҕэ буолуо) диэнтэн атыны, билигин тугу да өйдөөбөппүн. Бүгүн-сарсын туттумахтаан хаалыахха диэнтэн атын санаа киирбэт барахсаттарын «алгыстара-сүбэлэрэ» төһө-хачча эдэрдэргэ тиийэн эрэрэ буолла? Сороҕор, бастакы остуол кэннинээҕилэр түүл-бит курдук өйдөнөр кэмнэрэ да бааллара. Сэттэ уонус сыллар уруулара куотаһа-куоталаһа, элбэх киһилээх, дэлэй арыгылаах буолаллара, хастыы эмит күн салҕанан баралларынан аатыраллара. Бэйэм уруум буолар күнүгэр, сарсыарда быткэмбинээккэ баттах кырыттара барбыта буолан кубулҕаттанан, арыгылаан кэлэн уруубун хаахтыта сыспытым. Оччолорго барыта күлүү-оонньуу курдук этэ гынан баран, уруу тэрийэр төрөппүттэрбитигэр кыбыстыыта сүрдээх буолуохтаах. Уруум саҕаланыар диэри утуйа түһэн дьоммун «абыраабытым»…
Телевизорга көстөр омук киинэлэриттэн уулуссалара, куораттара ыраастарын тоҕо эрэ өйдөөн көрбөппүт, үтүктүбэппит, ол оннугар, тоҕо эрэ, пиибэни тута сылдьан иһэллэрин үтүктэбит. Кинилэргэ арыгыны рекламалааһын бобуулааҕын, киинэлэригэр арыгылааһыны көрдөрбөттөрүн, дьон-сэргэ мустар сиригэр арыгыны иһии иһин кытаанахтык ыстарааптыылларын туһунан билбэппит, эбэтэр билбэтэҕэ буолабыт. Биһиги кырачаан Хонуубут уулуссаларын, дьиэлэргэ киирэр ааннарын, үтүктэ сатыыр омуктарбыт, хастыы эмит мөлүйүөннээх куораттарын, дьиэлэрин-уоттарын кытта тэҥнээн көрөр өй киирээхтээбэт. Бэйэбит култуурабытын тэпсэн туран, атын омук култууратын иҥэринэ сатаахтыыбыт да, кыаллыбат. Атын омук диэн атына өтө көстөр буоллаҕа дии. Хайдах да оҥоһун-симэн, син биир «нерусский», «чернож…й» буола турарбыт буолуо. Омскайга бииргэ сылдьар нуучча уолаттарым бэйэм курдук дьүһүннээхтэри итинник ааттыыллара. Суохпар бэйэбин да атыннык ааттаабаттара буолуо оҥоробун. Түмүк оннугар. Биир күн Валентина Васильевна Жиркова эрийэ сырытта: «Эйигин кэпсэтэ-ипсэтэ ыҥыран баран, соһуччу куораттыыр буоллум, бырастыы гын»,- диэн. Дэлби алҕаата. Учууталым барахсан билигин куоракка сиэннэрин көрсүһэн олорор. Бу иннинэ, кылгастык да буоллар, көрсөн кэпсэппиппит. «Сэһэҥҥин сэргээтим аҕай»,- диэбитэ. Былырыын соһумардык олохтон барбыт Сааскабытын санаан кэри-куру буолан ылбыппыт. Онно ыҥырбыта, үлэҕинэн буолбакка, анаан-минээн сэһэргэһэ кэлээр диэн. Бириэмэ булан эрийбитэ миэхэ күндү буолаахтаатаҕа, эрийбэтэҕэ да буоллар өйдүөм этэ, барыбытыгар да араас күн эгэлгэ кыһалҕата элбэх буоллаҕа. Учуутал күнүн уһуннук да күүттүм. Учуутал күнүнэн күндү киһибин Мария Петровнаны эҕэрдэлиэхтээхпин. Аадырыһын, телефонун булбутум ыраатта. 1964 сылтан ыла билсэ иликпин. Быйыл буолар Төбүлэҕим оскуолатын үбүлүөйүгэр ыҥырыахтаахпын. Сааһын ааспыт сайын түспүт хаартыскатын көрбүтүм. Учууталым барахсан билиҥҥи сааһыгар холоотоххо эдэрчи көстүүлээх этэ. Олох, үлэ үөһүгэр сылдьар быһыылаах эбит дии санаабытым. Оннук дьон кырдьыыга мээнэ бэриммэттэр. Долгуйа-долгуйа учууталым нүөмэрин эрийдим. Уой, ыллылар! Арай, атын нүөмэр буоллун? Сааһын кинилэр нэһилиэктэрэ халаан уутугар барбыта, баҕар, телефоннарын лиинийэлэрин тарда иликтэрэ буолуо? Баҕар, дьиэтигэр суоҕа буолуо? Баҕар, кини курдук ааттаах дьон хас да буолуохтара? Ол эрээри, сүрэҕим сэрэйэр, чахчы кини буолуохтаах. -Алуо, дорооболоруҥ, бу Чымынаайы дуо?- аны куолаһым кэһиэҕирэн хаалла. -Чымынаайы. Прокопьевтарбыт. Ким нааданый?- эдэрчи куоластаах дьахтар саҥата иһилиннэ, бэйэтэ буолбатах быһыылаах. -Мария Петровна баар дуо? -Баар, баар, билигин ыҥырыам. -Алуо, хантан эрийэҕит?- чахчы Кини, аата үөрдэхпиин… Долгуйан сүрэҕим бип-битигирэс. -Муоматтан, Соркуомап Сэргэйбин. -Серёжаҕын дуо? Бу үөрүүнү,- аны Учууталым куолаһа кэһиэҕирдэ.-Сыччыый, Серёжа истэбин. Эн үлэҕин-хамнаскын билэбин. Наһаа үөрэбин уонна эйигинэн киэн туттабын. Өр да күүттүм этэ бу күнү. Ити аата син мээнэ олорботохпун. Учууталым миигинэн киэн туттар. Үбүлүөйгэ ахтыы суруйан, хаартыскалаан ыытыах буолла. Арай үбүлүөйгэ кыайан кэлбэтэ хомолтолоох. Сэрэйбитим курдук, учууталым барахсан үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьар эбит. Музейдаахпын эҥин диэтэ. Дьэ итинник дьон ииппиттэрэ-такайбыттара, уһуйбуттара миигин. Учууталларым барахсаттар..Эһиги миигинэн киэн туттуугут миэхэ туохтааҕар да күндү наҕараада, сөптөөх суолу тутуспутум туоһута буоллаҕа. Ааккытын ааттатар, киэн туттар, үөрдэр-көтүтэр үөрэнээччилэргит элбии турдунар. Таһырдьа чаҕылхай күннээх күһүҥҥү сарсыарда. Маннык күннэргэ мин онно-манна барыах-кэлиэх санаам кэлэр: оҕо сааһым Төбүлэҕэр дуу, эдэр сааһым Соболооҕор дуу, аламаҕай-элэккэй, дьиҥнээх айылҕа оҕолоругар Чыыстайдарга дуу, туруу үлэһит Буор-Сыһыыларга дуу, бэйэбиниин биир санаалаах Сайдыыларга дуу? Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, мин төрөөбүт дойдум кэрэтин саҥаттан-саҥа арыйабын. Хайдах маны уруккаттан бэлиэтии көрөөхтөөбөт бэйэбиний. Биирдэ эмит, бу айылаах үтүөнү, кэрэни, сырдыгы эрдэ өйдөөн көрбөккө, арыгы умсулҕаныгар туймааран, балай хараҥаҕа сүүрбэччэ сылы халтайга ыыппыппын кэмсинэр санаа охсуллан ааһар. Ол гынан баран, мин олоҕум диэн, мин олоҕум. Арааската, маннык буолуохтаах буолан, маннык буоллаҕа. Арыгыны утары охсуһуу мин аналым быһыылаах. Үөһээҥилэр: «Бу киһи илиилэрин ыллахха эрэ, бэйэтин аналын толорууһу»,- диэтэхтэрэ. Ол аналбын толордорбун ханнык. Сааһыары Мария Петровна эрийэ сырытта. -Сыччыай, эн эрийиэххиттэн, утуйар уум алдьанна, хайдах да үбүлүөйгэ бара сылдьарга быһаарынным. Үөрдэхпин эриэхсит. Көрсүһүүбүтүн араастаан оҥорон көрөн, аны мин утуйар уум алдьанна. Кулун тутар 14 күнэ, 2008 сыл. Дойдубар түүн кэлэн, утуйа түһэн баран, өрөгөйдөөх күннээх оскуолабыт спортзалыгар, кырачаан Төбүлэх дьоно-сэргэтэ мустан эрэригэр бардым. Учууталым кэлбитэ, көрсө иликпин. Долгуйуу киэнэ улахана. Иһирдьэ ыҥырдылар, кылаастарынан дьаарыстанныбыт. Уһун остуолга ыалдьыттар уонна тэрийээччилэр олороллоро көстөр. Учууталбын булан көрдүм гынан баран, ыраахтан. Үөрүүлээх аһыллыы бүтүүтүн саҕана, от күөх көстүүм былааччыйаах, Учууталым барахсан, билигин да көбүс-көнө уҥуохтаах, аралыччы көрбүтүнэн аргыый аҕай биһиги диэки хааман иһэрэ… Өр да күүттүм этэ бу түгэни. Ахтыспыт дьоннуу куустустубут, уурастыбыт, ытамньыйдыбыт да быһыылаах. Аҥаардас маннык көрсүһүү туһугар да олоруохха сөп. Икки күн чыпчылыйыах түгэнигэр ааста. Бырааһынньык сүпсүлгэнигэр буолан, аанньа кэпсэккэ да хааллыбыт быһыылаах. Ол гынан баран олус диэн астынан тарҕастыбыт. Кыракый Төбүлэҕим бу икки күн биһигинэн эрэ тыынан, астынан, дуоһуйан, үөрэн-көтөн олорбута. Ол кэнниттэн ииппит, улаатыннарбыт оҕолорун биһигини сайыһа хаалбыта. Аныгы көрсүөххэ диэри, көмүс ньэкээ биһигим буолбут Төбүлэҕим барахсан!
Хонуу бөһүөлэгэ, 2000-2008 сыл.
Олох биирдэ бэриллэр. 18 апреля 2020
Олох биирдэ бэриллэр. Сэһэҥҥэ ааптар эдэр сааһыгар куһаҕан дьаллыкка ылларан, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйан, арыгы дьиҥнээх сиэртибэтэ буолан олоҕун айгырата сыспытын туһунан дьиҥ кырдьыгынан суруйар. Дьон-сэргэ, чуолаан үүнэр көлүөнэ, арыгы аҕалар алдьархайын өйдөөн, биирдэ бэриллибит олоҕун дьоһуннаахтык олороругар сүбэлиир.