хаайыыттан ки4и конон тахар дуо ким билэр дьэ 100тэн биирки4и может быть уонна ол короче таптал у4у да всеравно как то не так что романтика типа что ли да ну ама да эргэ тахсар ба5атын и4ин статус что ли че попало короче
Сайаана 15 ноября 2012
Да ну на эн бэйэн!
Тоьо бэйэлээх киьи буоланныын тылласта5ын уьу! Конулгэ кордоххо онтон, онноо5ор ынырык сирэй-харах дьаабы майгылаах да ыччат элбэх ди. Биир ал5ас тылтан, туттууттан киьи оло5о инник дьыл5аланан олох ыараханын билэн конор суолга уктэниэн ба5алаахтар элбэхтэр буолуо ди ону хантан билиэххитий. Дьон оло5ор орооьума, олох арааьынай буолар. Эн чугастык билэр да киьин тубэстэ5инэ атын сирэй буолар инигин. Тугу да билбэт эрээригин! Туох да диэбиккит иьин биьиги олохпут сырдык уйэлээх буолуо! Дом дом дом!
солнышка чиичааза 17 ноября 2012
куустээх санааны!
Содержание
Автор: Сайаана - 29 июля 2012 14:02
Бэйэм урукку уонна билинни олохпуттан суруйан корорго сананным. 4, 5 сыллаа5ыта санаабар хаьыакка суруйуохпун ба5арарым да, хайдах суруйарбын билбэт этим. Онно суруйдахпына ааппын маннык уларытан суруйуом диирим. Уонна ол аатым бу дьиннээх олохпор киирбитэ то5оостоох кэмэ кэллэ диэн оло5ум суолун са5алыым... Ийэлээхпин, а5алаахпын, эбээлээх этим. Бииргэ торообуттэр 5-т, со5отох кыыспын. О5о о5о курдук о5о сааьым ааспыта, арай ийэлээх а5ам сылаас сыьыаннарын билбэтэ5им. Со5отох кыыс атаах игин буолуо дии саныыллара буолуо да, дьонум атаахтаталларын ойдообоппун. Кыра эрдэхпиттэн эбээм корбут-истибит буолан эбээбин чугастык саныыбын. Оскуоланы бутэрбитим, орто уорэххэ уорэммитим уонна сал5ыы дальше уорэнэ барбата5ым. Финанса, олорор дьиэ проблемата буолан. Чэ оннон оннук ааьан истэ. Кыра быстах2 улээбитим. Ол сылдьан аймахтарбын кытта атын улууска куулэйдии бара сырыттахпына биир аймах уолларын кытта билиьиннэрбиттэрэ. Бастаан корон оскуола о5ото дии санаабытым, онтукам оскуолатын бутэрбит эбит. Онтон эмиэ ол улууска бардыбыт. Бу сырыыга аны ол уолу собулээн кэбистим, уол эмиэ собулээтэ быьыылаах. Онтон эмиэ оннук барыы-кэлии быыьыгар, уол мин туспунан ыйыталаьар уьу диэни истэн баран дьикти иэйиигэ ылларан ойум-санаам барыта ол уол буолбута, аьыыр аьым ас буолбата5а, утуйар уум коппутэ. (Уол аатын, уларытан да суруйбаппын, аат значение имеет быьыылаах диэн, уолунан буоллун) Онтон аны сурук нонуо суруйсан бардыбыт. Сана суруйсан иьиэх курдук буолбуппутугар уол армиялыыр буолбута. Олорор дойдутугар бара сылдьан корсубутум. Коро туьээт хайдах буолуохпун билбэтэ5им, ынырык кыбыстыбытым, бу иннинэ хайа да уоллуун сылдьа илигим. А5ыйах хонугунан армия5а барбыта, кэтэьиэх буолбутум уорбутэ. Тиийээт сурук суруйбута, хаста да суруйбута. Биир утуо кун эмиэ сурук кэллэ, суруйбут онно доруобуйам тулуйбата топтору ыыталлар кэтэс тиийиэм диэн. Кэлбит сура5ын истибитим да бэйэбэр биллибэтэ5э, онон оннук сыл анаара ааспыта. Саас ол дьоммун кытта эмиэ уол баар дойдутугар барсыбытым. Корсубуппут, корсуом дуо кэлэн дорооболоспутугар дорооболоспото5ум. То5о дорооболоспотуй диэн баран кэлсибит дьоммуттан ыйыталаста. Киэьээ оттугэр корсон кэпсэттибит. То5о армияттан кэлэн баран биллибэтэххиний игин диэн ыйытыыбар сурук суруйталаан ыыппытым тиийбэтэ5э дуо диэбитэ. Дьиннээхтии ыыппытын ыыппата5ын билбэппин ба5ар дьоно хайаабыттара буолуо. Ол буоллар биир суругун атын улууска аймахтарыгар ыыппыт дьааьыгыттан булан миэхэ ыыппыттара. Туох-хайдах олорорбун ыйыталаьан, борустуой ба5айытык суруйбут этэ. Билбэт этим ойугэр-санаатыгар туох баарын. Чэ эмиэ оннук ааста дьиэбитигэр барарбыт кэллэ, массыына5а киирэн олорон эрэн ытаатым нэьиилэ хара5ым уутун туттуннум. Киниттэн тэйэн барыахпын ба5арбата5ым. Сайын буолла, эмиэ уол дойдутугар барсар буоллум уоруум мунура суох буолла. Тиийдибит, кэлэрбин сэрэйэн дуу, кэтэспит курдук улэтиттэн ааны онойон кордо уонна утары кэлбитэ. Приветтэстибит эрэ, уьун айантан сылайбытым бэрт буолан утуйбутум. Сарсыныгар быьыылаах киэьээ корустубут. Онно бастакы эппит тыла холбоьуохха диэн этэ. Бу санаан кордоххо ол са5ана эдэр о5олор буоллахпыт дии, наьаа оннук таптаьан холбоьон олорботохпут, боростуой ба5айы этэ. Бастаан аннараа олорон иьэн мин дойдубар кэлэн олорбуппут. Барыта учугэй этэ бастаан, онтон дьонум уолу собулээбэттэрин биллэрэннэр куоракка олоро барбыппыт. Дьэ онно са5аламмыта этиьэрбит, уол иьэр игин буолан барбыта. Эдьиийдээ5эр игин олоро сылдьыбыт буолан, куорат чуочэтэ собулээбэтэ5э. Онтон барытыттан сылтаан этиьэрбит элбээн тулуйбаккабыт, ситэри сокуонунан холбоспокко эрэ арахсыбыппыт. Ол арахсарбытыгар бэриэмэннэй буолбуппун сана билбитим, эрдэ со5ус сэрэйэрим да эппэтэ5им. Бэриэмэннэй буоллум диэн эппиппэр, кыыьырбыт-оьургэммит санаатыгар сымыйаннан игин диэн итэ5эйэ сатаабата5а, абортат игин дии сылдьыбыта. Эдьиийэ эмиэ абортат диирэ да, мин кинилэр курдук чараас мэйиилээх буолбатахпын! Кэлбит о5о кэллэ5э диэн бэйэм да иитэргэ санаммытым. Ол курдук куннэр-ыйдар ааьан испиттэрэ. О5олонор кэмим кэлэн ба5арбытым курдук кыыс о5оломмутум)).
Ол кунтэн ыла са5аламмыта дьоллоох кунум о5оломмуппуттан. Ийэ буолар дьолун билбитим, кунум-ыйым, баарым-суо5ум барыта о5ом буолбута. Семьябар бэйэм со5отох кыыс буоламмын, кыра эрдэхпиттэн балтыланыахпын ба5арарым да, суо5а. О5ом миэхэ ол ба5а санаабын толорон, туолбатах ба5а санааларбын толоро, толорор да5аны, толоруо да турда5а. Онон бу олоххо ал5ас буолбакка, кэлээри кэлбит уьун остуоруйалаах о5о. Бастакы кэмнэрбэр уоруубуттэн о5оломмуппун олох итэ5эйбэт этим. О5ом а5ата оннук же биллибэтэ5э, торообутум иккис кунугэр смс нонуо уорэн э5эрдэлээбитэ онон буппутэ. Суох да суох улаханна уура сатаабата5ым. Ол эрэн, онтон син биир о5ом а5ата суо5уттан санаар5ыыр этим. Аны туран кыыьым уруобуна а5атын курдук, тэбис тэннэр. О5ом улаатан, олох сал5анан испитэ. Ол тухары син биир умнубата5ым кинини. Саатар аймахтарым аймахтара буолан саната тураллара, умнар да кыа5ым суо5а. Ол да буоллар санаабын наьаа туьэрбэккэ, олох устун айаннаан испиппит. Кыыьым улаатан 3 сааьа буолбута. Онно а5атын кытта коруьуннэрэргэ быьаарыммытым.
Бу иннинэ о5обун а5атын кытта коруьуннэрэр былааным суо5а. Онтон хайдах эрэ санаам буолбата5а, о5ом туьугар диэн, а5атын биллин-кордун диэн баран корсорго быьаарыммытым. Дэриэбинэттэн куоракка аймахтарбытыгар куулэйдии тиийдибит. Ол сарсыныгар телефонунан дьонун нонуо кэпсэтэн, о5отун корсоругэр собулэьэн корсуох буоллубут. Дьэ онтон бардыбыт, а5абыт аймахтарын дьиэлэригэр. Сылдьыбата5ым ыраатан суолларын умнан кэбиспиппин. Дьиэлээхтэргэ телефоннаан ханан барар этибиний диэн ыйыттым, кэлэн ис корсуохтэрэ диэн буолла. Чугаьаан истибит тэйиччи со5ус киьи турара, ойдоон корбутум о5ом а5ата эбит. Биьигини корон утары кэллэ уорбут а5ай. Кыыьыгар кэлэн миигин билэ5ин дуо диэн ыйыттааччы буолла, о5ом барахсан хантан билиэй уйэтигэр сана корбут киьитин. Кыыьын кото5оору гыммытыгар кыыспыт котохторбото. Дьиэ5э тиийэн чэйдээн баран кэпсэттибит. О5отун бэйэтигэр наьаа майгыннатта, буолар да эбит ээ диэтэ. Чэ ол курдук кэпсэтэн, санаалыын чэпчээн, уорэн-котон дьиэлиэх буоллубут т.е аймахтарбытыгар. Киьибит массыыналаах буолан илдьэн биэриэх буолла...
Массыына5а киирэн олорон айаннаан истибит, омук ырыата тыаьыы турда бастаан кыратык. Дьэ онтон сана айаннаан истэхпитинэ соруйуон уруккуну санатан курдук, сахалыы ырыа кэлбитигэр улаатыннарда. Ол ырыаны урут бастаан миэхэ анаан хоьоон гына суруйан ыыппыта. То5о ити ырыаны тыаьаттай дии саныы олорбутум. Ол ырыа бутээтин кытта аны киьи ис санаатын, сурэ5ин, дууьатын ыарыылаахтык таарыйар ис хоьоонноох ырыа кэллэ. Ол ырыа ис хоьооно маннык: уруккуну саныыбын, таптыырбын бу ырыа нонуо тиэрдэбин уонна умнубатах таптыыр буоллаххына, тоннуоххун соп буолла5ына толкуйдан диэн. Ити ырыалары истэн баран, хайдах буолуохпун билбэтэ5им. То5о ити ырыалары тыаьаттын диэн ыйытыахпын ба5аран баран ыйыппата5ым, тылбыттан матан баран олорбутум. Ол ырыалар бутээттэрин кытта аччатан кэбиспитэ. Дьэ оннук магазинынан игин эргийэн аймахтарбытыгар тириэртэ. Массыына5а олорон кыратык ону-маны кэпсэтэн баран, тахсан иккиэннэрин хаартыска5а туьэртээн баран дьиэ5э киирдибит. Уоьээ этээскэ о5отун кото5он таьаарда уонна покалаьан баран баран истэ5инэ, о5о5ун кытта кэпсэтиэххин ба5ардаххына телефоннаар диэтим аьаа соп диэн баран туьэн барда. Телефонум нуомэрин биэрбэтэ5им, о5отун кытта кэпсэтиэн ба5арда5ына булан эрийиэ диэн. Уонна кун бугунугэр диэри телефоннуу илик. О5отугар кыьаллара, наадыйара буоллар саатар телефон нонуо кэпсэтиэ этэ да оннук буолбатах. О5отугар кыьаллыбатын, наадыйбатын туьээн корорум. Туулбэр кэлэн уопсайынан мэьэйдэьээччи, онтукайа дьиннээх олохпутугар киирээри гынна быьыылаах курдук. Чэ наьаа уьаан кэнээн бараары гынным, онно оссо да тиийиэхпит. Дьэ ол курдук дьиэбитигэр киирдибит. Киэьээ туун буолан утуйдубут, утуйуом дуо мин ити кэннэ, харахпын симэн да корбокко утуйбатым. Сарсыныгар дойдулаатыбыт. Дьининэн о5ом туьугар диэн, а5атын коруьуннэрэн уорэн-котон дьиэлиэх буолбуппут да5аны сурэх баастаах, дууьа ыарыылаах барбытым. Дьиэбитигэр кэлэн баран бастаан туох да буолбата5ын курдук сылдьа сатаабытым да табыллыбата5а. Киьилии аьаабат да утуйбат да, тугу да гыныахпын да ба5арбат буолбутум. Киниэхэ о5отун кордорбут манньабар инник гынан соруйуон эрэйгэ, санаа5а ыллаттарда дуо диэн эрэйдэммитим. Туорт ыйы быьа дууьам ыалдьа сылдьыбыта. То5о маннык бу олоххо буоларый диэн бэйэм-бэйэбиттэн элбэхтэ ыйыппытым. Танараттан да кордоьон ыларым, элбэхтэ. И так да, о5обунаан иккиэн эрэйдээх, кыьал5алаах, лабиринт курдук суоллаах олохпутугар, кини учугэй баайытык утары кэлэн баран кэннинэн турунан, суолбутун буолуу-хаайа турунан кэбиспит курдуга. Дьэ оннук эрэйдэнэн туорт ый буолан баран, санаабын чэпчэтэргэ быьаарыммытым. Смс нонуо то5о инник гыммытын уонна санааларбыттан босхолотоору ыйыппытым да онно мин ыйытыыбар эппиэттээбэтэ5э. Кыыстаахпын скоро свадьба диэбитэ. Онно дьэ хайдах эрэ санаалыын, дууьалыын чэпчээбиккэ дылы буолбутум. Арай биири ойдообото5ум. Ол корсор кэммитигэр, ол кэмнэ кини кыыстаах этэ уонна то5о инник гыммытын ойдообото5ум. Чэ онон-оннук буолбута, бириэмэ син ааспыта. Ол эрээри син биир кинини саныырым. (Сал5ыа5ым. Билинни...)
Дьэ ити кэннэ а5ыйах кэм ааста. Санаабар хайдах эрэ, ону-маны санаан ылабын. Оло5ум то5о маннык уустугай диэн бэйэбиттэн ыйытарым. Онтон хайдах эрэ санаа киирдэ. Кимниин эрэ, ким2 хайдах олохтоо5ун, ким туох санаала5ын кыьал5алаа5ын тэннэ уллэстэн кэпсэтиэхпин ба5ардым. Бу диэн эттэххэ санаабын уллэстэр чугас подруга игин суох. Санааларбын кытта собус-со5отохпун. Ол курдук телефон смс нонуо кимниин эрэ билсэн, санаа атыстаьан, ким туох санаалаа5ын билээри, бэйэбин аралдьытан атын билбэт уолу кытта билсэн кэпсэппит киьи дии санаатым. Ол са5ана контакт игин диэннэригэр суо5ум. Онон чугастыы Эдэр саас хаьыакка биллэрии биэрдим. Дьэ хаьан эрэ санаабытым курдук ааппын уларытан Сайаана диэтим.
Билинни оло5ум... Дьол хара5а суох...
...Биллэриибин среда5а ыыппыт буоллахпына, аныгыс среда5а бэчээттэнэн тахсан биллэриибин корон онно эппиэттиэхтэрэ диэн кэтэьэ сырыттым. Среданы кэтэьэ сырыттахпына, кэтэспэтэх оттубуттэн вторникка биллэриибэр эппиэттээн смс кэллэ билсиьиэххэ В диэн мтс. Сразу эппиэттиэхпин мтс номерым минус этэ, а так мег. номердаа5ым да онон хайыахпын ба5арбата5ым. Дьоммунан мтс-р харчыта угаарын диэн эппитим да, то5о эрэ мег-р укпуттар этэ. Сыыьа укпуттарын эппиппэр мтс-р бэйэлэрэ укпуттара. Онон смска эппиэттээн кэпсэтэн испиппип. Онтон аны олох да звоннаан барда, мин смс эрэ нонуо кэпсэтэбин диэбитим иьин ол кэннэ биллибэтэ5э. Мин буолла5ына оссо эппиэт кэллэ5инэ айка аны билсибэппин сылдьыаххыт эбээт диэбитим. Аны 2-с эппиэт кэлбитэ ... К диэн мтс этэ да онно эппиэттээбэтэ5им. Онтон аны 3-с эппиэт кэллэ мегафон. Мин онно то5о эрэ эппиэттээн оннук билсэн бардыбыт.
Билсиьии
Кини привет билсиьиэххэ соп дуо? диэн ыйытта. Мин билсиьиэх Сайаана диэтим. Кини дальше нууччалыы суруйан барда, меня .... 27 лет, а ты откуда сама? Мег есть? диэн ыйытта. Мин онно эмиэ нууччалыы эппиэттээтим уонна тел. кэпсэтээри гынна диэн, мег есть но пока только смс диэтим. Онно киьим нууча буотахпын сахабын диэн смс-та. Нуучча диэн суруйарыгар биир ч букватын суруйбата5ын иьин уонурбут дии санаан, хайдах эрэ уоннээх со5ус киьи быьыылаах ээ дии саабытым. Аны оло5ум туьунан ыйыталаьан барда. Мин туох диэхпиний о5олоохпун диэтим, ба5ар ону собулуо суо5а диэн дальше кэпсэтэргин кэпсэппэккин бэйэн билэ5ин диэбитим. Тохтуу туьэн баран бэйэн ханна эмит уорэммитин игин дуо диэн ыйыппыта. Чэ оннук билсиьиибит сал5аммыта. Уолу кытта таак кэпсэтээри гыммытым то5о эрэ хайдах эрэ дьикти баайытык, характербытын, ким тоьо ростаа5ын игин быьаарсан барбыппыт. Киэьээ буолан чэ аны сарсын диэн буолла, спокойной ночи дэьэн баран бастакы билсиьиибитин тумуктээбиппит. Сарсыныгар смстаата кэпсэтэбит дуо диэн мин биллибэтим. Онтон тохтуу туьэн баран эмиэ хайа Сайа кэпсэтэбит дуо диэтэ. Мин туох диэхпин билбэккэ хайдах санараран кэпсэтэбит дуо диэтим онно аьа эрийэбин дуо мин улэбэр пока тугу да гынарым суох иллэнмин диэтэ. Мин дьонум истиэхтэрэ диэн, наадабар баран иьэбин онно бэйэм вызов биэриэм диэн буолла. Урут маннык кимниин да кэпсэтэ илигим онтон уонна сана са5алаан кэпсэтэрбитигэр хайдах эрэ буолуо ди истэллэригэр. Барыахтаах сирбэр тиийдим уонна сэрэнэн2 эрийдим телефона арахса сылдьар эбит. Онтон тохтуу туьэн баран эрийдэ мин бэйэм да билбэппинэ долгуйа2 альуо диэтим, кини иьиллэр дуо диэн чэ оннук кэпсэтиибитин са5алаан кэпсэттибит. Аны таьырдьа кыьын ортото, мин таьырдьа топтору-таары хама сырыттым, тонон магазин иьигэр киирэ-тахса арыый да ор со5ус кэпсэттибит. Кини хотуттан сылдьар арыыйда ыллаан санарара. Тоьо саналааххыный, сытыыгын-хотуугун дуо игин диэн ыйыттым онно наьаа оннук саната суохпун, сытыы буолбатахпын диэбитигэр мин, бэйэм курдук эбиккин дии диэбитим. Ханнык улууьун, дьоннорун, ханна улэлииллэрин, бэйэтэ тугу ханна улэлиирин игин кэпсэттибит. Манна куорат таьыгар биир чааьынай хаьаайыстыба5а улэлиибин диэтэ. Чэ оннук бастакы кэпсэтиибит буппутэ, киэьээ эмиэ кэпсэппиппит.
Дьикти...
Билсэр куммут биьиэнэ 15 февраля этэ, тапталлаахтар куннэрин биир кун хойуутаан... Киэьээ ол кэпсэтэн баран утуйаары сытан ону-маны саныы, санаабар хайдах эрэ уорэ сыппытым. Хайдах билсэн кэпсэппиппитин, ол уолу саныы сытан утуйан хаалбыт этим. Сарсыарда арай смс кэлбитигэр, дьикти баайытык санаалыын уорэн-котон, чэпчэки баайытык уьуктан кэлэн смс-ьы корбутум "Утуо сарсыарданан Сайаана!" диэн этэ. Ону корон оссо уорбутум, оссо чэпчээбиккэ дылы буолбутум. Онтон ыла билсибит уолбун эрэ саныыр буоллум. Сотору2 кэпсэтэрбит, аны сана билсэр буолан бэйэ-бэйэбит туьунан кэпсэтэрбитигэр дьонум истиэхтэрэ диэн соро5ун смстаьарбыт. Аны ол быыьыгар телефона арахса сылдьар буолааччы, эбэтэр кэпсэтэ сылдьан телефонун арааран кэбиьээччи. Ол да буоллар мин тугу барытын умнан туран, кинини эрэ саныыр буолбутум. О5ом а5ата кэннибэр хаалбыкка дылы буолбута. Оннук ус кун буолбута билсиьиэхпититтэн, кэпсэппиппитин курдук кэпсэтэбит. Бу тухары мин кинини саныырым оссо кууьурдэ, кини ойун-санаатын, дууьатын бэйэбэр чугастык ылынным, санаабар оло5ум чэпчээбиккэ дылы буолбута. Дьиктитэ диэн мин кинини харахтаан коро илик да буолларбын. Утуйбат да буолбутум, кырдьык ус куну быьа кинини санаан утуйбат этим. Киэьээтин хойуукка диэри саныы сытан туун ортото утуйарым уонна сарсыарда эрдэ уьуктарым, обычно биир бэйэм 10, 11ч. уьуктар бэйэм. Биир утуо сарсыарда санаа киирдэ. (билсибиппит 3-с кунэ) Бугун билигин или хаьан да буолбатах диэн сурэ5им этэрин истэн кинини саныыр буолбуппун, хайдах саныырбын, сугун утуйбат буолбуппун, чугастык ылыммыппын этэн туран, хоьоон о5ото суруйан смс ыытарга быьаарынным. Ор толкуйдуу барбакка ыыппытым. То5о эрэ эппиэт кэлбэтэ, эрийбэтэ да5аны. Тохтуу туьэн баран смс кэллэ. Онно кини олох ыалдьа сытабын настроение суох онтон эрийиэм соп диэбит уонна санаа5ын эппитин учугэй, санаа5ын туьэримэ барыта учугэй буолуо диэбит. Мин онно дьэ чэпчээн уоскуйбутум. Ол эрээри то5о эрэ син биир эрийбэт, мин эрийдэхпинэ арахса сылдьар буолар. Ону тулуйбаккабын смс ыытар буоллум. Билсибиппит 5-с кунэ. Смспын ыыттым уонна эттим - "наьаа да эрэйдиигин, то5о сутэргин уонна то5о тел. арааргын этэн кэбиьиий!" диэн. Мин санаабар кинини атын кыыстаа5а или кэргэннээ5э буолуо дии саныырым.
...Смс-н ыытан санаам арыый бэттэх кэллэ. Ол быыьыгар, дьиэбин хомуйа сырыттым. Олох иллэнэ суох, улэбин бутэрэ охсоору ыксыы а5ай сырыттахпына дьэ телефоннаата. Мин буолла5а киниэхэ эттим "олох иллэнэ суохпун тохтуу туьэн баран эрийэ5иин" диэтим онно кини соп диэн буттубут. Мин улэбин эрдэ со5ус бутэрэн уорэн настроениялаахтык танас хомунан ыксаан а5ай баанньыкка баран испитим. Таьырдьа тахсан баран иьэн, харчыбын умнан дьиэ5э топтору киирээччи буоллум. Арай смс кэллэ киниттэн... ...Мин онно, дьэ оло5ум манан буттэ дии санаан, вообще санаам барыта тустэ. Оло5ум сырдаан иьэн топтору харанарда. Салгыы хайдах буолабын диэн, санаабын чэ кыратык сааьылаан харда эппиэт ыыттым. Уонна ол дьиэ5э харчы эрэ ыла киирэн баран чаас анарынан биирдэ тахсан бардым. Хаьан да инник куьа5ан санаа5а ылларбатахпын ылларан туох да наадата суох буолбута. Оннук же настроениям барыта алдьанан сырыттым. Сал5ыытын дальше суруйабын ду, суох ду? Куттанабын ээ ойдуохтэрэ суо5а диэн. Тем более бу билигин дьиннээхтии буола турар олохпор...
Смс - ыарахан кэм.
Ол баран иьэн дьиэ5э киирдим, смс кэлбитигэр киниттэн диэн корооччу буоллум. Онно суруйбут: "Сайаана баьаалыста бырастыы гын эн дууьа5ын аймаабыппар, эн учугэй кыыскын инники дьолгун корсуо5ун диэн эрэнэбин. Онтон мин эйигин албыннаабыппыттан дууьам моруу буолар, тугу гынарбын билбэппин. Хаьан да албыннаабат бэйэм, дальше албынныыр кыа5ым суох. Бу мин ........ (#) олоробун. Онон баьаалыста бырастыы гын уонна быраьаай" диэбит. Оо мин онно, оччолоо5у аа5ан баран хайдах буолуохпун билбэтим. Оло5ум сырдаабыкка дылы буолан иьэн топтору харанарда. Настроениям барыта алдьанна, санаам долбу тустэ, сэниэм барыта эстибиккэ дылы, туох да наадата суох буолла. Ор со5ус оронно дойон баран сыттым, ардыгар эмиэ да кинини аьынан ылабын. Саамай ыарахан кэм онно буолла. Салгыы хайдах буолабын дии санаатым. Кини учугэй, олоххо арааьынай буолар диэн чэ санаабын арыый бэттэх а5аллым. Уонна харда эппиэт ыытарга сананан ыыттым: "Оччо5о аатын, дойдун, дьонун, улэн барыта албын дуо? Онтон характерын инник учугэй дуо? Тоьо ор буола5ын? Хаьан эмит саатар биирдэ эмит коруом дуо? Дальше так кэпсэтэр кыа5ын суох дуо? Суох буолла5ына ойдуом" диэн смс сурайан ыытан, тел. арааран баран баанньыкпар бардым. Онтон кэллим тел. холбоотум смс эппиэтэ кэлбит. "Барыта кырдьык гынан баран олоробун. Эн кэпсэтиэххин ба5арар буоллаххына. Только милиция суо5у5ар" диэбит. Онно мин сразу эппиэттээтим: "Кэпсэтиэхпин ба5арабын, уруккуну умуннардын эн миэхэ. Эн дьининэн учугэйгин быьыылаах" диэн эмиэ ыыттым. Кыратык тохтуу туьэн баран эмиэ киниттэн смс кэллэ: "Сайаана кырдьыгы этэн арыый чэпчээтим. Босхолонорум ыраах со5ус. Хаартыска5а эрэ буолуо" диэбит. Дьэ бу кэннэ мин эмиэ санаалыын арыый чэпчээбитим. Уонна дьэ ойдообутум, кини то5о телефона арахса сылдьарын, кэпсэтэ сылдьан то5о арааран кэбиьэрин. Иннэ кытаанах хонтрол буолла5а дии. Хас милиция улэьитин кордо да кэпсэтэ сылдьан арааран иьэр, или олох да тел. арааран кэбиьэр. Мин киниэхэ санаабын этэн смс ыытарбар, кини онно олорор буолан хайыыр да кыа5а суо5уттан санаата туьэн, дальше маннык сатаммат диэн тел. эрийэн кэпсэтэригэр хайдах эрэ буолуо диэн саатан эрийэн кэпсэтэ сатаабатах. Олороруттан сылтаан, кэпсэтиэн настроенията суох буолан эрийбэккэ смс-н кэпсэтээччибит. Смстаар санаа5ын туьэримэ барыта учугэй буолуо диэччи.
Сарсыныгар эбиэт кэннэ кини сэрэнэн сэрэнэн телефоннаата ол ынырыктаах смс кэннэ, аргыыйдык кэпсэттибит. Кыратык тохтуу туьэн баран мин сэрэнэн ыйыттым: "... дуо? Самозащита дуу или хайдах" диэн. Онно кини "суох оннук буолбатах" диэтэ. Иьэн бараннар, кини оттуттэн улахан туга суох, чэпчэтии быьыылаах статьялаах. Чэ инник онон-манан быьаарсыбыппыт. Киьэлик со5ус смс-та: "билигин эрийиэххэ соп дуо?" диэн ыйытта, то5о диэтэр мин дьонум баалларыгар истэллэригэр кэпсэтэрбин собулээбэппин ол иьин. Чэ, син кэпсэтиэххэ соп эбит диэн эрий диэтим, эрийдэ кэпсэттибит саналыыттан кэпсэтэр дьон курдук. Мин бэйэм эмиэ буруйдаах киьи курдук киниэхэ этэбин: "ити Сайаана диэн мин дьиннээх аатым буолбатах" диэтим. Кини онно арыый да соьуйда быьыылаах, мин то5о иннэ диэн ааттаабыппын остуоруйатын сыыьын кэпсээтим. Кини ойдоото уонна мин киниэхэ миигин Сайаана диэн ааттаар диэтим. А так бэйэм в будущем ааппын уларытыахпын ба5арабын... Онтон биир утуо кун сарсыарда диэкиннэн туьээтим. Арай харана со5ус, элбэх ба5айы ааннардаах, хостордоох дьиэ5э киирэн мунан хаалбыппын. Ор да ор тахсар ааммын сатаан булбаппын. Онтон биир сырдык танастаах чуочэни корон, кинини батыьан биир ааны арыйан та5ыстым. Ол тахсыбытым биир киьи скамейка5а кэтэьэн баран олорор эбит, биир киьи буолуо дуо санаабар бэйэм кэпсэтэр киьим. Онтон миигин корон баран турда уонна иккиэн бииргэ тахсан бардыбыт:). Ол чуочэни ангел хранителим буолу дии саныыбын ба5ар. Онтон уьуктан кэллим, олох наьаа учугэйдик ып-ыраас салгынынан, дууьалыын чэпчээн сымна5ас баайытык тыына а5ай сытар эбиппин. Олох дууьалыын чэпчээн учугэй баайы этэ, соро5ун оссо тылбынан сатаан быьааран эппэппин учугэй. Эбиитин сана уьуктааппын кытта ол чэпчэки баайытык тыынар кэммэр, хас эмэ сылы быьа эрэйи кордорбут, сатаан хайдах да гынан умнуо суох, ынырыгын сурэхпиттэн хаьан да тахсыа суох буолбут, бу сыллар тухары кинини эрэ кэтэспит о5ом а5ата ойбуттэн-санаабыттан, сурэхпиттэн тахсан барбыта. Урун дууьа котон тахсан барбытын курдуга. Оннук же о5ом а5ата ойбуттэн-санаабыттан, сурэхпиттэн тахсан барбыта. Онтон ыла оло5ум санаттан са5аланыыта, ойум-санаам, сана уунэр кунум, тыынар салгыным барыта бэйэм да билбэппинэ билинни киьим буолбута. Билсиэхпит иннинэ эрдэ куьун о5ом а5атын саныыр этим. Биир ырыа эрэйбин эрэйдээбитэ, атын ырыалары тел блютус нонуо ылбытым. Онтон ол биир ырыаны хаста эмит ис хоьоонун истэ истэ, эс хайдах маннык буолуой диэн куьа5ан буолаары гынарым. Эмиэ да ылыахпын ба5арабын эмиэ да суох, оннук гынан санаам буолбакка ылбытым. Ол ырыа А.Григорьев "эйиэхэ эрэнэр" диэн ырыата. Хайдах эрэ бэйэм олохпор, ол кэмнээ5и куннэрбэр майгынныыр эбит дии саныыбын. Билсибиппит иккис нэдиэлэтигэр диэри, ол биллэриибэр эппиэттээн уопсайа суурбэччэ киьи билсэ сатаабыта. Уксулэригэр олох да биллибэтэ5им, а5ыйах киьини кытта кыратык кэпсэтэн иьэн бэйэм атаарарым. Бэйэм киьибиттэн ураты миэхэ чугас ким да суо5а.
Сарсыарда хойуут турар бэйэм, эрдэ уьуктан турар буолтум. Киэьэ хойуут утуйар бэйэм, эрдэ со5ус бириэмэтигэр утуйар буолтум. Кини сарсыарда эрдэ смс ыытан эрдэ уьугуннарара, киэьэ отбойбут буолан эрэр диэн "спокойной ночи минньигэстик утуйаар" диэн ал5аан утутара. Биир кун киниэхэ смс ыыттым "эйигин коро илик да буолларбын эн ойун-санаан миэхэ чугас курдук. Ол иьин эйигин чугастык ылынным. Эйиэхэ уорэнэн хааллым, биллибэтэххинэ тугум эрэ тиийбэт курдук буолар. Эн сутэн хаалбакка кэпсэтэр, ойдуур-ойуур коннору табаарыс курдук тоьо кыалларынан биллэ турарын буоллар оло5ум ба5ар чэпчиэ этэ. Мин дьолбун бэйэм булуом суо5а, дьолум миигин бэйэтэ хаьан эмит булуо диэн эрэниэм!" диэн. Чэ маннык курдук куну супту кэпсэтэрбит. Миэхэ наьаа учугэй, тел нонуо да буоллар кэпсэтэр до5ор баарыттан, тоьо кыалларынан эрийэрэ. Аны 23 февраля кун буолбута. Кини, "бырааьынньык да биьиги бырааьынньыктаабаппыт, биьиэхэ бырааьынньык буолбатах биьи син биир улэлиибит" диэбитэ. Онно мин, кини тоьо да онно олордор санаатын кото5оору киниэхэ э5эрдэлии таарыйа смс ыыппытым "эйиэхэ куустээх санааны, кытаанах доруобуйаны уонна барыта учугэйи ба5арабын! Санаа5ын туьэримэ эн да хаьан эрэ сотору конулгэ тахсыан. Куох окко, конор учугэй суолга уктэниэн! Главнайа учугэйдик сырыт. Уонна бу смс нонуо иэдэскиттэн сыллаан ылабын!" диэн. Бырааьынньыгынан э5эрдэлээбиккэр махтанабын диэн смс ыыппыта. Кун аайы кэпсэтэрбит. Улэлиир, ол быыьыгар отрядка та5ыста5ына улэьиттэр бааллар диэн соро5ор эрийэ тохтуур. "Эн тугу гына сылдьа5ын? Биьиэхэ билигин бааллар, сотору бэрэбиэркэ буолар ол кэннэ бардахтарына эрийиэм соп" диэччи. Инник кун аайы сэрэнэн кэпсэтэрбит, кэпсэтэбит. Онтон 8 марта кун буолла. Сарсыарда миигин э5эрдэлээн смс ыытта. Киэьээ буолла, кыргыттарым ыныраннар дискотека5а барар буоллубут. Киьим тел-р эттим кыргыттарбын кытта дискотека5а баран эрэбит диэтим. Бу баран эрэбин кыргыттарбар диэтим, наар дьиэ5э олорорум иьин чэ учугэйдик сынньанан кэлээр диэтэ. Тахсан баран истэхпинэ смс ыытта "утуо киэьээ буоллун, учугэйдик сылдьан кэлээр! Уонна бу смс нонуо иэдэскиттэн сыллаан ылыам соп" диэбит. Оо мин ону аа5ан баран ынырык дьолломмутум, уорбутум котуохпун кынатым эрэ суо5а. Мин "соп, учугэйдик сылдьан кэлиэм" диэн эппиэттээт уорэн-котон барбытым. Ол киэьээ наьаа учугэйдик, дьоллоох са5а сананан сылдьыбытым. Бастаан а5ыйахта кэпсэтэрбит улам элбээн барбыта. Харахтарбар дьол уота умайан, харахтарым кылабачыйар буолбуттара. Уулусса5а хааман иьэн уоруу мичээрдээх сылдьарым. Кэпсэттэхпитинэ энергия киирэрин курдук буолара, кыратык эмэ кэпсэппэтэхпитинэ батареям олорон сэниэм эстэр курдук буолааччы.
...Телефон тыаьаата5ына, смс кэллэ5инэ уорэн сурэ5им долгуйан ылааччы. 8 марта иннинэ "эйигин кытта билсиэхпиттэн кото сылдьар буоллум" диэн смс-та. Биирдэ кэпсэтэ сырыттахпытына "суруктаах хаартыска5ын ыыта5ын" диэтэ. Кыра сурук сыыьа суруйан бэйэм хаартыскабын ыыттым. Билсибиппит уруобуна 1 ыйа, киэьээ туун 00:00ч са5ана киниттэн смс кэллэ "Сайаана привет утуйа сыта5ын дуо?" диэн. Мин соьуйдум хайа туох буолан утуйбакка сытарый дии санаатым. "Утуйа иликпин" диэн эппиэттээтим. Кыратык тохтуу туьэн баран смс-ьа кэллэ. "Сайаана учугэй сонуннаахпын, бугун суруккун туппутум онтон уорэн утуйуом да кэлбэт, хаартыска5ын кордум наьаа учугэйгин" диэбит, аа5ан баран бэйэм да уордум). Билсибиппит 1 ыйынан э5эрдэлээн эмиэ иэдэскиттэн сыллыыбын диэн смс ыыттым. Онно кини "эйигин эмиэ иэдэскиттэн сыллыыбын только мин наьа кыраьыабай буолбатахпын эйиэхэ барсарым ду, суо5а ду ба5ар собулуон суо5а Эйигин кытта постоянна кэпсэтэн бэйэ-бэйэбитин учугэйдик билиэхпин ба5арабын да бу # системата ынырык мэьэйдиир" диэн смс-та. Онно мин "тас корунун буолбакка ис санаан, дууьан учугэй буолуон наада. Онтон эйигин корор куннээх буоллахпына сурэ5им бэйэтэ собулуо" диэбитим. Тохтуу туьэн баран телефоннаата, хайдах эрэ обычно кэпсэтэрин курдук буолбакка арыый да саатар курдук аргыыйдык кэпсэттэ. Ол кунтэн ылата кэпсэтэрбит кыра-кыралаан элбээн испитэ. Аны мин кинини короору хаартыска ыыттарбытым. Бэйэтигэр суох буолан, дьиэтиттэн бэйэтигэр ыыттаран баран сурук суруйан хаартыскалаах суругун миэхэ ыыппыта. Ол суруга кэлиэн иннинэ ммс ыыппыта. Бэйэм тел. настройката суох буолан, дьон эргэ со5ус экраннаах тел ыыттарбыт буолан онон-манан корбут да буолларбын, мин кинини хаьан эрэ ханна эрэ корбут курдугум. Суруктаах хаартыската кэлбитэ, сразу хаартыскатын корооччу буоллум корон баран олох кимиэхэ эрэ наьаа майгыннаттым, наьаа чугастык санаатым. Суругар дьонун, бэйэтин туьунан суруйбут. "Манна киириэм диэн хаьан да санаабат да этим, аны кэлэн хайыыр да кыа5ым суох буолар буолла5а дии, аны инникибин эрэ саныахпын наада ол иьин санаабын наьаа туьэрбэппин, эйигиттэн сурук тутан дьоллонон олоробун, хаьан да маннык кыыстан сурук тута илигим, билигин эйигин корсорбун онорон кордохпунэ сатаан да санаабаппын хайдах буоларбын" диэбит. (Бу олоххо миэхэ дьолум суох дии сылдьыбытым, биир ойдуур кыыс эн бааргар мин дьоллоохпун диэбитэ). "Хаартыска5ын коруохпуттэн ойбуттэн тахсыбаккын наар эйигин эрэ саныыр буоллум. Эн миигин хаартысканы эрэ корон эйигин собулээбит дии саныан оннук буолбатах, мин эйигин ис санаа5ын дьуьуннун барытын со5о махтана саныыбын. Эн хаастыскабын корон собулуон суо5а онтон куттанабын, эйиэхэ биир кордоьуулээхпин корон ба5ар собулуон суо5а оччо5о уьаппакка этэн кэбиьээр мин хаьан да хайа да кыыьы маннык чугастык ылыммата5ым. Аныгыс суруккар кыаллар буолла5ына кыыскынаан туспут хаартыска5ытын ыытыан да? Чэ пока доруобуйа5ытын харыстана сылдьын сааскы халлаан сымыйа буолар. Уонна Сайаана саамай главнайа бу олоххо Эрэн бары учугэйи кытта ...." диэн бастакы суругун тумуктээбитэ.
...Инник курдук билсэн, харахтарбытынан корсубэккэ да сылдьан ис санаабыт соп тубэьэн, олоххо биир тэн интэриэстээх буолан бэйэ-бэйэбитин собуулээн мин кинитэ суох, кини миигинэ суох сатаммат буолбуппут. Онтон хаартыска нонуо да буоллар бэйэбитин корсон ис сыьыаммыт оссо кууьурбутэ. Киниттэн хас сурук кэллэ5ин аайы уоруубуттэн долгуйан, арыт аьынан хара5ым уута тахсааччы. Кэпсэтэрбит элбээтэр элбээн испитэ, смстаьарбыт да5аны. -"Сайаана, эйигин кытта билсибитим наьаа учугэй, эн миэхэ кундугун! Эн баарын наьаа да учугэй! Билигин биьиэхэ бааллар бардахтарына эрийиэм соп, сыллыыбын! Эйигин ынырык собулуубун!!! Эйигин а5ынным. Эйигинниин билсиэхпиттэн наьаа дьоллоохпун! Эйигин ахтабын, сыллыыбын-кууьабын!" диэн смстааччы соро5ор сатаан эрийбэт кэмнэригэр. Иннэ хайдах олорорун, тугу улэлиирин, шмон, проверка, ол бу туьунан кэпсээччи. Ону-маны элбэ5и кэпсэтээччибит. Тууннэри да кэпсэтэр буолбуппут. Оннук биир туун кэпсэтэ сытан "мин эйигин собулуубун" диэбитэ. Онно мин, "мин эйигин эмиэ собулуубун, собулуубун диэн буотах мин эйигин Таптыыбын" диэбитим уонна сурэ5им куускэ2 тэбэн ылбыта. Кэпсэтэ сытан кыратык тохтоон ылбыппыт, ол туун иккиэн наьаа да дьолломмуппут. Ол быыьыгар мин куттанан да ылааччыбын, оннук-маннык дииллэр диэн (кыргыттары албыннаан туьаналларын туьунан) эн оннук киьи буолбатаххын учугэйгин, куьа5ан суолу батыьыма учугэйдик олор диэччибин. Кини бэйэтэ да5аны олох сырдыгар талаьар буолан куьа5ан оттун санааччыта суох. -"Оннуктар бааллар гынан баран мин оннук буолбатахпын дьиннээхтии эйигинниин кэпсэтэбин, эйигин ТАПТЫЫБЫН! Хайдах да албыннаабаппын, албынныыр санаам да суох" диэбитэ. Аан бастаан кырдьык таах мээнэ кэпсэтээри гыммыт этэ бэйэм курдук, онтукайбыт бэйэбит да билбэппитинэ собулэьэн сыьыаммыт чугасыьан хаалбыта. Мин аан бастаанныттан кинини кытта билсээт, бэйэм испэр кини мин оло5ум диэбитим. Иннэ олорорун билэн да баран кинини кэтэьэр былааннаа5ым. Итини ол бастаан кэпсэтэр кэмнэрбитигэр этэрим "эйигин кэтэьэбин" диэн, кини да кэтэьэрбин, кэтэьиннэриэн ба5арар. Кини, "эйигинниин уйэм тухары бииргэ буолуохпун ба5арабын, бу ыарахан кэмнэри маны барытын тулуйуохха эрэ наада эн главнайа кэтэс учугэй буолуо" диэбитэ. ...Уонна "Дьоммун кытта билиьиннэрэбин дуо?" диэбитэ. Мин буолла5ына "хайдах эрэ буолуо, о5олоохпун игин туох эрэ дии саныахтара" диэн эппитим. Ону кини "мин дьонум ойдуохтэрэ сымна5ас майгылаахтар" уонна ... ... ... ... ... онон ойдуохтэрэ диэбитэ. (тугун суруйбатым) Онон кини дьонугар эппитин кэннэ, бэйэбин билиьиннэрэн хаартыскалаах сурук ыыппытым. Онтон кини дьонуттан хаарт-х суруктара кэлбитэ. Уорбуттэр а5ай уолларын тустарыгар, уоллара инникитин санаан учугэйдик олороругар, кини олорор кэмигэр санаатын бо5ор5отон куус-комо буоларбар. Дьэ онтон ылата олох чугастыы кэпсэтэр буолбуппут. Ийэтин кытта сотору2 тел-нан кэпсэтээччибит. Ийэтэ сайын аайы соро5ор сыл кото2 Дьокуускайга кэлэр. Ыраа5а бэрт буолан, бу кэмнэ кэлиэ суохтаа5ын уола миигин кытта коруьуннэрээри, ийэтиттэн кэлэрин кэлбэтин элбэхтэ ыйыталаьан кэлиэ суохтаах киьи ийэтэ кэлэн биьигинниин корсубутэ. Онтон ийэтинээн иккиэн, онно олорор сиригэр короткай свидания5а корсо барар буолбуппут. Баран корсор куммэр наьаа долгуйа2 барбытым. Тиийэн ол бу кумаа5ытын толорон, киирэн корсор уочараппытын кэтэспиппип. Ийэтигэр комолоьон передача туттарарбар, биир нуучча дьахтара ыьытыы-хаьытыы принимайдаабыта. Мин олох куьа5ан буола сыспытым ол биьиги туох буруйбутугар ыьытаан-хаьыытаан дьаабыланна5ай?! Киирэрбитин кэтэьэ сылдьыбыппыт, ол туран киьибин кытта тел кэпсэтэбит. Обычно кэпсэтэрбит курдук кэпсэтэбит, киирэн корсон хайдах буоларбытын быьаарсабыт, долгуйа куутэбит аан бастаан чугастык корсор буолан. Ол гынан баран туннук нонуо, ол да буоллар уун-утары буолла5а дии. Киирэрбит кэлэн ынырдылар. Ааны арыйдылар киирээппитин кытта сиэппитигэр туох баарын барытын хостотон, телефоммутун, харчыбытын сумкабытын ууран, паспорбытын кыракый окошка5а биэрэн хаалларан баран аан бо5о ааьан чугаьаатыбыт. Мин чугаьаата5ым аайы долгуйуу бо5обун. Киьим ийэтэ ол аанна киирэбит диэтэ, полиция чуочэ арыаллааьыннаах чугаьаатыбыт, кэллибит. Мин корсор сир ааныгар кэлэн тохтоон киирбэккэ турдум. Ону ийэтэ санныбыттан икки илиитинэн тутан кэннибиттэн кууьан, ойоон курдук киллэрдэ. Мин долгуйан кыбыста2 киирдим. Киирээт утары тиийээппитин кытта, ийэтэ бу баар диэтэ. Мин дьэ, бу диэн кордум киьибин, барахсаным наьаа долгуйбут кыбыстыбыт а5ай. (Туннук нонуо тел-нан кэпсэтэ5ин) Свободнай телефоннарбытын булан олордубут. Трубкаларбытын ылан аргыыйдык кэпсэтэрбитин са5алаатыбыт, иккиэн да нэьиилэ тыл таьааран "привет" дэстибит. Кини олох долгуйан кыбыстан сап-салыбырас, нэьиилэ санарар бастаан кэлэ5эйдиир уорэр икки ардынан кэпсэттэ. Мин да5аны кыбыстан нэьиилэ санара олордум, аны ийэтэ баар буолан эмиэ кыбыстабын. Чэ оннук гынан син кэпсэтэ сатаатыбыт, ийэтинээн иккиэн атыстаьа сылдьан кэпсэттибит. Бириэмэ тургэнник ааста, а так бэриллэр бириэмэлэрэ 2 чаас. Бутэр чааспыт чугаьаата, кини утары корон олорон "тугу да этэрин суох даа?" диэн ыйытта, мин "кэнники" диэтим. Ол олорон мин хаста да5аны "Таптыыбын эйигин" диэхпин тылым сатаан тахсыбата, ол онтон бэйэм да санаам тустэ. Кини, "миигин дьиннээхтии корон собулээбэтэ быьыылаах" диэн хомойбут этэ. Бириэмэбит бутэн тахсарбыт кэллэ да5аны, мин олох киниттэн тэйэн барыахпын ба5арбаппын да буоллар покалаьан баран тахсан бардыбыт. Остановка5а тиийэн автобус кэлэрин кэтэьэ туран хара5ым олох # диэки. Санаабар киьим бу тахсан кэлиэх курдуга, хара5ым уутун нэьиилэ туттуна турбутум. Автобус кэлэн барбыппыт.
Баран иьэн автобуска олорон эрэн ону-маны саныы олоробутум. Хаьан да маннык, хаайыыга бара сылдьыам диэн санаа да киирбэт этэ, киинэ5э эрэ корооччубун. Онно бара сылдьан, мин кинини корон баран туох да дии санаабата5ым. Харахпынан корбокко да сылдьан, дууьабынан, сурэхпинэн собулээн корсубут тапталым буолла5а дии. Кини боростуой дьуьуннээх да буоллар дьонтон туох да уратыта суох. Хата кини боростуой дьуьунэ миэхэ оссо собулэппитэ. Дьиэбэр тиийэн баран, кини чо5улуччу корбут харахтарын кун аайы коро сылдьыахпын ба5арбытым. Киьи биирдэ, иккитэ корбут киьитин сирэйин дьуьунун умнар да буолар эбит. Ол да буоллар биьиги ммс нонуо хаартыскаларбытын бэйэ-бэйэбитигэр ыытыьан онон корсобут. Бу иннинэ хаартыска5а сатаан туспэт этим. Кинилиин билсиэхпиттэн дьоллонон хаартыска5а туьэрим тупсубута, оссо киниэхэ анаан туьэн ыытар буоллахпына ордук табыллар. Кини да хаартыска5а туьэрин собулээбэт да буоллар, миэхэ ыытар ба5аттан сотору2 туьэн ыытар. Ол кинини корсон кэлэн баран, кинини оссо куускэ Таптаабыппын билбитим. Киьим ол тухары сэрэнэн кэпсэтэрэ, миигиттэн тугу эрэ кэтэьэр курдуга. Мин санаабын этэн, тапталым киниэхэ оссо кууьурбутун туьунан смс ыыппытым. Ол кэннэ дьэ уоскуйан спокойно кэпсэтэр буолбута. Чэ оннук курдук, бастакы корсуьуубут долгуйуулаах да буоллар учугэйдик ааспыта. Онтон киьим ийэтэ дойдутугар барара чугаьаабыта. Уола: "ийэм дойдутугар барыан иннинэ куоракка киирэн оссо корсубэккит дуо?" диэбитэ. Мин оссо баран корсуохпутун ба5арбытым, только наьаа куьа5ан халлааннар тураннар "ардахтаах игин буолла5ына сатаан барбаппыт буолуо, а так бара сатыахпыт" диэбиппэр ис-иьиттэн санаата туьэн хомойбута. Баран ийэтин корсор куммут буолбута. Сарсыарда эрдэ туран таьырдьаны корбутум ардах бо5о туьэ турара, мин санаам туьэн топтору ороммор сытынан кэбиспитим. Аны сытан эрэн саныыбын эрдэ киьим эппитин, "ийэм корсон тугу эрэ бэлэх биэриэхтээх" диэбитин. Эмиэ да ардах туьэр, эмиэ да санаабар хайдах эрэ. Иччэ кыьаллан тугу эрэ биэриэхтэрин ба5арбыттарын баран ылымаары гынным диэн, бииринэн эмиэ да хайдах эрэ, ол тугу биэриэхтээхтэрин эрэ ыла барарым курдук. Ол курдук кунус буолан эбиэт чугаьаабыта. Биьиги дьолбутугар ардах тохтоон, халлаан ырааьырбыта. Мин санаам буолбакка хайыырым буоллар дии сырыттахпына, хата уруобуна куоракка барар массыына костубутугэр уорууннэн куораттаабыппыт. Тиийэн ийэтинээн корсубуппут. Тиийэппитин кытта сразу бэлэхтэрин ууммута. Кыыспар кукла, миэхэ урун комус кулоннаах цепочканы уонна кыра наьаа учугэй сувенир биэрбитэ. Мин "бу .... аатыттан да" диэн ыйыппытым, ону "иккиэммит аатыттан" диэбитэ. Мин, маннык да буоллар, хаьан да уолтан бэлэх тута илик буолан наьаа уорбутум. Ийэтинээн киэьээнни дылы паарка5а куулэйдээн, кэпсэтэн, уорэн дуоьуйа астынан дьиэлээбиппит. Киьим барахсан, кэлэн ийэтинээн корсубуппутугэр уорбутэ.
...Инэн инник... Кун аайы бириэмэ коьуннэр тел кэпсэтээччибит. Итиччэ дьонун кытта билиьиннэрбит киьи, инникитин конулгэ та5ыста5ына, ыал буолан холбоьон бииргэ дьоллоохтук олоруохпутун ба5арарын эппитэ. Мин ону эрэ кэтэспит курдук собулэспитим. Дойдутугар да ыытыан ба5арара, онно олорон эрэн кинини кэтэьэрим курдук. Ол эрэн эмиэ да дойдута ыраа5а бэрт буолан, манна бэйэм да дойдубар олорон кэтэьэрбин эмиэ ба5арар чугаьа игин, иннэ киниэхэ сотору2 баран таас нонуо да буоллар корсорбутугэр учугэй буоллун диэн. Кэпсэтэбит кун аайы, ол быыьыгар о5обун да элбэхтэ ыйыталаьар, "тугу гынарый, туохтан уордэй, то5о ытаатай, хайыы сылдьарый?" диэн уо д а элбэ5и ыйыталаьааччы. О5ом, наар истэр, билэ-коро сылдьар буолан уорэнэн хаалла быьыылаах, киьим да эмиэ мин о5обун кытта кэпсэтиэн ба5аран ардыгар иккиэн кэпсэтэр буолбуттара. Биирдэ киьим хаартыскатын корон баран кыыьым этэр "ээ ити мин Паапам ди" диэн миигин соьуппута, тоьо эмэ бэйэтин айбыт а5атын корон билэр да буоллар. Ону мин "дядя .... дии, иннэ диэ" диэччибин. Ону кыыьым олох "мин Паапам, Паапа ...." диэн бэйэтин айбытынаа5ар наьаа кундутук саныыр буолбута. "Кини хаьан кэлэрий, то5о кэлбэтий, бэйэбит киниэхэ то5о барбаппытый?" диэн элбэх ыйытыылары ыйытар буолбута. О5ом кинини паапа диириттэн киьим уорэр эрэ :). (Бу барыта былырыын, кыьын, саас, сайын, куьун)
...Ити сыл сайыныгар, кини иннэ да олордор холбоьуохпутун ба5арбыппыт да5аны, оннуга-манныга элбэх буолан тохтообуппут. Онтон уонна дьонум утарыахтара, собулуохтэрэ суо5а диэн, уонна атын да дьон туох дии саныахтарай диэн "чэ конулгэ та5ыстахпына холбоьуохпут эн главная кэтэс" диэбитэ. Онтон сиэттэрэн дьон санаата, атын киьи ойо-санаата, ким да ойдуу сатыа суо5а, ким да ойдуу сатаабат диэн санаа5а ылларан, ону-маны саныырым элбээбитэ. Ону барытын киьибэр этээччибин. Онно олорор киьи туох диэ5эй, киниэхэ эмиэ куьа5ан буолла5а дии. Ол онтон сылтаан тел нонуо кыралаан этиьэр буолан барбыппыт. Ол да буоллар уоскуйан, ойдоьон эйэлэьээччибит. Куьун, биирдэ свадьба5а ынырыллан барбытым. Эрдэ барарым биллибэт этэ, барбатым буолуо дии сылдьан эмискэ барар буолбутум. Онно киьим миигин барбат диэн, киэьээ спокойно миигин кытта кэпсэтиэн ба5арбыт этэ. Мин барарбын истэн баран хомойбута. Ол кун улэлээбитим. Улэбэр танаспын игин илдьэ кэлбит буолан улэм кэннэ таннан, оностубута буолан баран ыксаан а5ай бараары сырыттахпына телефоннаабыта. Аны илдьиэхтээх такси массыыната кэлбитэ ону кэтэьиннэримээри ыксаан киьибин кытта учугэйдик кэпсэппэтэ5им, онно кыыьырыахча буолбута. Ол киэьээ эрийбэтэ5э. Бэйэм эрийэ сылдьыбыппар арахса сылдьара дуу, или номерын дуу уларыппыт этэ. Свадьба бутэн биьирэмнэригэр кыратык сылдьа туьэн баран, а5ыйах да буолларбыт кылааьынан корсубэтэхпит ырааппыт диэн биир кыыспыт дьиэтигэр тиийэн олорбуппут. Эдэр ыччат буолан онтон син биир кыратык иьиилээх. Мин биир бэйэм табахтаабаппы да, испэппин да5аны. Кыратык для настроения испитим. Аны туран ол дьиэ5э тел антыаната хаппата5а, сутэн хаалбыта. Оннук олоро туьэн кэпсэтэн-ипсэтэн баран сарсыарданнан дьиэлэрбитинэн массыыналаах однокласникпыт илдьибитэ. Ыраах сирдэртэн са5алаан, мин иккиьинэн дьиэбэр кэлбитим. Кэлэн истэхпитинэ арай телефонум тыаьаата, номер скрыт. Мин сразу сэрэйдим кини диэн, уонна телефону истээччи буоллум. Ким да санарбат, мин билэр буолла5ым дии кини диэн. Онно одноклассницаларым уонна одноклассниктарым бааллара. Бары кэпсэтэ олороллоро, ону истэн баран олох да куьа5ан буолбут этэ. Дьиэбэр а5алан баран бардылар. Киирээппин кэннэ тохтуу туьэн баран эрийдэ. Бастаан санарбата, ону мин кини буоларын билэн эппиппэр дьэ санарбыта. Дьэ кыыьырбыт а5ай этэ, туох да суо5ар кунуулээбитэ, эбиитин кини эрийэ сылдьыбытыгар как на зло тел антыаната хаппат этэ дии, тел араара араара5ын диэбитэ. Онно эмиэ этэьиилээх этэ. Кэпсэтэн бутэ да сыспыппыт, кинини таах мээнэ илдьэ сылдьарым курдук. Саамай куьа5ан кун онно этэ. Инникигэ эрэлбит, дьолбут, олохпут барыта алдьанаары гыммыт курдуга. Ол да буоллар онтон эмиэ ойдоьон учугэй буолбуппут.
Этиьии, арахсыы кутталын кэннэ Таптыыр сурэхтэргэ ыарахан тугэн, эбиитин дьон ойдооьунэ суо5уттан, тэйитии, утарыы кэнниттэн Таптал оссо кууьурэргэ дылы буолар эбит. Ол иьин ыарахаттары тулуйа сатаан ойдоьооччубут... Куьун, онтон кыьыммыт кэллэ, сана дьыл чугаьаата. Кэпсэтэбит кэпсэппиппитин курдук учугэйдик. Сана дьылга бырааьынньык кун а5ыйахта кэпсэппиппит. Бырааьынньык буолан улэьиттэр маныы сылдьар буоланнар. Ол да буоллар, Сана дьыл буоларыгар 00:00 ч чуут иннинэ эрийбитэ, бэйэ-бэйэбитин э5эрдэлэспиппит. Шампан арыллан куранноры охсуьуннарарбытын, ураа диэн уорэн хаьытаьарбытын телефон нонуо барытын истэ турбута.
...Тохсунньу ый сана дьыл бырааьынньыктара буолан ити ый тургэнник ааспыта. Онтон кэтэьиилээх Февраль-олунньу ыйбыт кэлбитэ. Эрдэттэн кэпсэтэн былааннаан, билсибиппит уруобуна 1 сылыгар Февраль 15 кунугэр короткай свидания5а корсуох буолбуппут. 15 чыыьыла буолан, хата туох да мэьэйдээбэккэ, корсо бараары сарсыарда эрдэ туран таьырдьаны кордум погода хайда5ын, наьаа оннук улахан тумана суох этэ. Ол да буоллар кыьын тымныы, мин санаабын туьэрбэккэ хомунан баран дьиэбиттэн тахсан бардым. Сарсыарда эрдэ, массыына суох игин диэбэккэ суолга тахсан турдум. Кырдьык да массыына суох, аны халлаан туманыран тымныйан барда. Мин турбутум курдук турабын, чаас курдук турдум, туруом да топтору таары хаамыталаатым улуйбэт туьуттан. Онтон ыксаан чаас да ыраатаары гынна уонна томмутум сурдээх буолан такси массыынатын ыныран центрга бардым, ол онтон оссо куораттыыр массыына5а олорон дьэ айаннаатым. Ол олорон олох ыксыы олоробун, бачча чааска тиийиэхпит дуо диэн суопартан ыйыта олордум. Куоракка тиийдибит, аны таксиспыт дьоннорун аадырыстарынан туьэртээтэ, мин олох санаам тустэ успейдаабат буоллубут диэн. Хата ол да буоллар тиийдибит. Чуут чуут успейдаан 2, 3 мунуутэ хаалбытын кэннэ, кэлэн барыахтаах автобуспар киирэн олорон баран дьэ Ьуу диэтим. Дьэ тиийиэхтээх сирбэр тиийдим. Сана иккис эрэ сырыым буолан учугэйдик билбэппин. О5олорун, аймахтарын корсо кэлбит саастаах чуочэлэртэн ыйыталаьан заявлениябын игин толордум. Аьыммыт харахтарынан корон, учугэй баайытык быьааран биэрдилэр. Барахсаттар, бары да биир тэн корсуьуугэ кэллэхпит дии. Киьим ийэтэ ыыппыт харчытынан магазиннарыттан передача ас атыыластым, ону бэйэлэрэ тиэрдэллэр. Онтон кыра окошка5а баран заявлениябын биэрэн ону-маны ыйыталастым, хата бу сырыыга учугэй санаалаах нуучча чуочэтэ буолан учугэйдик сыьыаннаста. Ол турдахпына эттэ: (сахалыы быьааран суруйуом) "телефоннааххын дуо? эрий эт" диэтэ. Мин ойдообокко "кимиэхэ телефоннуубун" диэтим, онно "кимниин корсо5ун ол киьигэр эрий" диэтэ, мин соьуйдум а5ай уонна ыйыттым: "эрийэбин уонна туох диибин" диэтим, "эрий уонна эт корсо кэллин" диэтэ. Мин соьуйуу бо5о соьуйан баран киьибэр телефоннаатым уонна эттим нуучча чуочэтэ иннэ диэтэ дии диэн, онно киьим бэйэтэ да соьуйда. Чэ оннук кини кэлэн, миигин ыныраннар корсо киирдим. Эмиэ туохпун барытын хаалларан иьирдьэ киирдим. Бу сырыыга уже корсубут уонна постоянна тел кэпсэтэр буолан наьаа кыбыстыбакка корсон кэпсэттибит. Ол да буоллар долгуйабын син биир, эмиэ таас нонуо, эмиэ урукку миэстэлэрбитигэр олордубут. Олорон эрэн элбэ5и кэпсэттибит, бириэмэ тургэн баайытык ааьан истэ. Атын корсооччулэр бары бутэн бардылар. Биьиги кэпсэппиппит 2 чааьын ааста да бутэр санаабыт суо5а. Бириэмэбит ыраатан полиция улэьиттэрэ топтору-таары хааман, коро-истэ сырыттылар. Иннэ гынан 3 чаас курдук кэпсэтэн бутэн покалаьан баран тахсан бардым. Интэн тахсан барарбар санаабар куьа5ан ба5айы, бэйэм соро5ум, оло5ум соро5о хааларын курдук буолар. Хата дьиэбэр барарбар наьаа томмокко сылаастык айаннаан тиийбитим.
Улэлиир, тел кэпсэтэр игин буоламмыт бириэмэбит син ааьан иьэр. Саас биир кун сарсыарда туран контакпар киирдим, друзья 1 эбиллибит. Хайаларай диэн корон баран соьуйан хааллым. Не в тему ба5айы о5ом а5ата заявка ыыппыт, мин ылбаппын дии санаатым. Ба5ар о5обун кытта билсиэ, комолоьуо диэн чэ ыллым, только ити о5ом эрэ туьугар кыьаллан. Кыратык быьаарсан кэпсэтиилээх буолла, онно кини о5ото тоьо улаатан иьэрин коро сылдьаары в друзья киирдим диир. Уонна санаатын хараастан эппитэ кэргэннээх о5олоро суох табыллыбат диэн. Мин кэннибиттэн, билинни кэргэнин иннинэ кэргэннээх этэ онно эмиэ о5оломмотохтор. (Уопсайынан сырыыны сылдьыбыт чуочэлэр быьыылаах, бэйэтэ да оннук) Соп буолла5а дии! Миэхэ санаабар тоьо ыарахан буолуой, о5обун кини комото, кини кыьаллыыта суох бэйэм улаатыннарабын. Эбиитин бастаан абортат дии сылдьыбыта. Танара баар! Кини барытын коро сыльдар, лично биир бэйэм итэ5эйэбин танара5а. О5ом айбытын бырастыы гыммытым, ба5ар о5отун кытта сибээстэьиэ диэн. Мин билиннээнни диэри, о5обун а5атын кытта саатар кыратык эмит билсэллэрэ буоллар дии саныырым барыта таах мээнэ5э эбит. О5отун кытта билсибэт, таах мээнэ фоткатын коро сылдьаары гынар ол туохха нааданый! Саатар о5отун кытта билсэрэ буоллар, син биир комолоспот атаары (эрээри). Иннэ гынан кини инник биьиги олохпутугар мэьэйдэьэ сылдьаары гынар. Уонна ол контакпар биллиэн иннинэ сура5а биьи туспутунан ыйыталаьар уьу диэн истибитим, уонна инник бэйэтэ баарын биллэрэ сатыыр дуу хайдах дуу! (Уоьээ эппитим массыына5а соруйуон ырыа холбообутун игин) Билигин моя терпения лопнула ол иьин vk друзьябыттан таьаардым. Эбиитин, киниэхэ моё благословение исчерпана быьыылаах! Хайдах да буоллуннар! Чэ буоллун, о5ом туьугар кыьалла сатаабытым да туьа суох син биир! Уонна онтон о5ом да5аны айбытыгар наадыйбат, о5отугар наадыйбат киьи туохха наада буолуой?! Сымыйаннан коруохпун, комолоьуохпун ба5арабын диир да5аны наар кини харчыта суох аатырар. Дьининэн дьыала харчытыгар эрэ буолбакка, саатар билсэллэригэр ба5арар этим да билигин суох. Биир оло5унан олорор ордук эбит! О5ом бэйэтэ билинни киьибин "паапам" диэн наьаа кундутук саныыр-ахтар, кэтэьэр. Чэ ити курдук бириэмэ ааьар. Сайын буолан киьим ийэтэ эмиэ кэлбитэ. Ону баран эмиэ корсубуппут. Бастаан корсо барарбыт са5ана кыра остуоруйалаах этэ. Ол да буоллар учугэйдик сылдьан, биьиэхэ биир чугас буолар киьибитин корсон кэлбиппититтэн уорбуппут.
Түмүк
Аа5ааччыларым кэтэьэн2 кэтэспэт да буолбуккут буолуо. Чэ кэтэьиилээх тумук тылларбын суруйан эрэбин. Элбэ5и суруйуохпун ба5арбытым да, чэ кылгастык да буоллар ойдонор гына суруйуом. Дьининэн эрдэ суруйуох киьини туох эрэ тутан тохтото сылдьыбытын курдук. Бу а5ыйах хонуктаа5ыта ойдоспот тугэн буолан этиьэ сырыттыбыт. Ол да буоллар ойдостубут. Уонна ойдоотум! (тьфу3) Бу да иннинэ эрдэ онтон-мантан кыра аайыттан са5алаан этиьэрбит элбэ5э. Ол барыта атын дьон ойдоро-санаалара, оло5у ырыталлара, киьи ис туругун, санаатын билбэккэ сылдьан оннук-маннык дииллэрэ ити барыта мин санаабар киирэн хаалбыт. Ол иьин ити этиьэрбит барыта ол туьуттан тахсара, мин барыны бары икки гына толкуйдуурум миэхэ мэьэйдиирэ. Кырдьыгынан эттэххэ угус киьи этэр тылларын истэр курдугум, ол эрэн мин сурэ5им, ис куолаьым элбэ5и уонна учугэйи этэрэ элбэх. Бу сылдьан биир оттунэн киьибин ынырыктык ойдуубун, ТАПТЫЫБЫН, онтон биир оттунэн наьаа эрэйдиирим ону бэйэм билэбин, билинэбин диэххэ. Билигин барытын бэйэм ойдоотум, сурэ5им этэрин истиэм, биир санааннан сылдьыам. Кини миигин ТАПТЫЫР, мин кинини ТАПТЫЫБЫН. То5о оччо5о бэйэ-бэйэбитин ойдоьон, ТАПТАЛБЫТЫН харыстаан бииргэ буолар ба5а санаабытын быьан кэбиьиэхтээхпитий?! Биьиги санаабыт куустээх, бары ыарахаттары тулуйуохпут уонна син биир бииргэ буолуохпут! Онтон ити биьигини ойдообот дьон бэйэлэрин кыьал5аларыгар ойдуу сатаабаттара буолуо. Ким таптыыр сурэхтээх, уйан дууьалаах, дьиннээх таптал диэн тугун-хайда5ын, сорох оттугэр таптал тоьо эрэйдээхтик кэлэрин, олох ыараханын билбит эрэ отто ойдоон эрдэхтэрэ буолуо. Мин бэйэм да дьонум ойдуохтэрэ суо5а эрээри... Кырдьык да5аны хайа тороппут ойдуой, кыра эрдэ5иттэн иитэн улаатыннарбыт о5ото хайа эрэ билбэт оссо # олоро сылдьыбыт киьини кытта оло5ун сал5ыырын. Ол эрэн мин дьолбун ким эрэ бу баар диэн булуо суо5а. Мин дьолум бэйэм илиибэр баарын ойдоотум, уонна ону ойдуур тустаахпын. Мин олохпунан ким да олоруо суо5а. Сурэ5им этэрин истэн, дууьам айманарын уоскутан дьолум туьугар санаам хоту туруоруммут сыалбын тиьэ5эр тиэрдиэм. ТАПТАЛЛААХ ДО5ОРБУН кэтэьэрбиттэн бэйэм бэйэбиттэн астынабын! :) Билигин ТАПТАЛБЫТЫН харыстыыр эрэ туьугар дьулуьуохпут. Инники олохпутун кинилиин билинниттэн толкуйдуубут, барыта этэннэ эрэ буоллар бары ыарахаттары бииргэ тулуйан, дьиэ уот тэринэн уйэбит тухары уьуннук дьоллоохтук олоруохпутун ба5арабыт! Уонна тумуккэ этиэм этэ кунду до5орбор эйиэхэ анаан: Биири ойдоотум бу олоххо эн биьи дьолбутун уонна ону харыстыам, сыаналыам! Оло5ум-Дьолум туьугар кимтэн да, туохтан да толлубакка инним диэки туруулаьыам! Мин эйигин ТАПТЫЫБЫН! Бары ыарахаттары бииргэ тулуйуохпут, барыта учугэй буолуо! :)))