Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаар түһэрээһин

Главная / Кэпсээ / Хаар түһэрээһин

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
02.11.2024 11:28
49 0

Автор: Урут - 13 марта 2020 05:59

Былыр кырыыһа хаптаһын эрдэҕинэ, ыал барыта хаар түһэрэн кэллэҕэ. Мин кэммэр хаптаһын кырыыһалаахтар син бааллар этэ. Сайдыы хаамыытынан үгүс ыал шиферинэн бүрүммүт кэмннэрэ да буоллар. Биир кырдьаҕас эдьиийим кыһыны быһа үлэһэн, биир мааны, сааскы өрөбүл күҥҥэ, болдьоһон, биир аллар атаспын кытта, хаар түһэрэ бардыбыт. Миигиттэн син тэйиччи соҕус олорор, күрдьэхпитин санныбытыгар сүгэн кэккэлэһэ хааман иһэн өйдөөн көрбүтүм, киһим тордуох ылбыт эбит. Бу да киһи тугун тордуоҕай диэн ыйтабын. Киһим ээ баҕар наада буолуо диэн күллэрдэ. Тиийээппитин кытта эдьиийбит барахсан чэйдиигит дуо диэн аны чэйдиир буоллубут. Дьиэлээх бэйэтэ хам түм да буоллар кыратык сып гынарын сөбүлүүр чүөчэ. Остуол ортотугар биир иһити туруоран кэбистэ. Биһи үөрэн биир кэм айахпыт хам буолбат. Атаһым барахсан буокка көрдө да иһэ да илигиттэн эппэт кэлэҕэй буолан хаалааччы. Киһим көрдөрбүтүнэн тардыас буолан хаалла. Иии-и-и бб-б-б бөҕө буолан хаалаахтаата. Үс киһи өр гымматыбыт түгэҕин начаас көрдүбүт уонна таһырдьа тахсаары туран эдьиийбитин маҕаһыыҥҥа ыыттыбыт. Эн кэлиэххэр диэри аҥаар өттүн хаарын түһэрэн бүтэриэхпит игин дэстибит. Аны быһа айгыстан үөһэ тахсыах буолбуппут кирилиэспит хас үйэтинээҕи эбитэ буолла, аҥаар уһун маһа уонна үктэллэрэ эмэҕирэн, тосту бара сылдьар буолбуттар. Инньэ гынан кыайан үөһэ тахсыбакка бытыкаайдана сырыттахпытына эдьиийбит тиийэн кэллэ. Хайа үөһэ тахсыбакка да сылдьаҕыт дуо диэн соһуйаахтаата. Биһи кыһалҕабытын кэпсээтибит. Эдьиийбит чэ чэ киирэн чэйдиэххэйин диэтэ. Кини да бытыга умайдаҕа. Киирэн эттээх миин иһэ иһэ буоккачааммытын иһэбит. Кэпсээммитинэн кырыыһа хаарын түһэрэн бүтэрбиппит быданнаата. Буоккачааны өр гымматыбыт. Кураанах иһитэ остуол анныгар уурулунна. Эдьиийбит элэстэнэн сүр буолбут. Ыалларыттан кирилиэс уларсан соһон иһэр эбит. Биһи сүүрэн тиийэн көмөлөһөөрү кирилиэһиттэн тардыалаабыппытыгар эдьиийгит билигин да үчүгэй игин дэтэлиир. Дьэ сыһан соһон кирилиэспитин өрө астыбыт уонна аҥар өттүн антыанаҕа өйөннөр кэбистибит. Киһим тугу эрэ тардыалатан саҥаран эрдэҕинэ, мин быһа түһэн чэ эн бастаа диэн дьаһайан кэбистим. Киһим саҥата суох үөһэ ыттан барда арай өйдөөн көрбүтүм антыанабыт истиэнэттэн тэйэн эрэр эбит. Мин сүүрэн тиийэн санаабар антыананы өйөөн көрдүм да миэхэ бэриммэтэ. Киһим тугу эрэ саҥаран тардыалата, тардыалата антыананы кууспутунан барса турда. Мин нэһиилэ туораан, тэйэн биэрээппин кытта, ыалларын хоспоҕун шифира өрө умайыктана түстэ. Киһибин антыана кэдэрис гынна да ыраах элээрдэн кэбистэ. Атаһым көтөн иһэн тугу эрэ эмиэ саҥара сатаан, тардыалаппытынан тиийэн уонча миэтирэ тэйиччи тоҥуу хаарга батары түһэн көстүбэт буолан хаалла. Оо дьэ маат муут бөҕөтө буоллубут. Тыаһы истэн хоспохтоох ыалбыт игин кэллэ. Киһим хата тугун да өлөрбөтөх хаары бүрүнэн тиийэн кэлээхтээтэ. Дьэ быһаарсыы кэннэ аны хоспоҕу кырыыһалыыр буоллубут ону тэҥэ антыана туруорар буоллубут. Миэхэ тобох шифр баар игин дэһии буолла. Атаһым табыллыбатыбыт сарсын игин кэлиэхпит дэтэлээбитин, эдьиийбит олох быһаты саҥарталаан хаарбытын түһэрэр буоллубут. Киһим олох куттанан үөһэ тахсыан баҕарбат буолан хаалбыт. Чэ эн быаны тутаар мин түһэриэм диэн уосктан киһибин эмиэ бастакы ытыннардым. Дьэ үөһэ тахсан бастакы күрдьэх хаары түһэрэн, үлэбит саҕаланна. Киһим холуочуйан кырыыһа төбөтүгэр олорон эрэ киһиттэн ордон, миигин күлүү гынан ыллыыр игин. Кэлэҕэйдээбэккэ бэккэ ыллыыр. Киһибэр быаны курданарыгар бэйэм баайбыт буолан эрэх турах сылдьабын. Сороҕор быатын ыытан, тардан испэт эттэххэ биирдэ тардар ыытаар. Ол буолан кырыыһабыт биир өттүн аҥаардаттбыт. Олорон табахтаатыбыт. Антыанабыт ханна бараахтыай хоспоҕу туора миинэн сытаахтыыр. Киһибин саҕарыйан биэр диэн баран, бэйэм саҕарыйан иһэн, киһибин көрбөккө эрээри, быабын күүскэ соҕус ыыта түс диэн баран, тартыааам арай киһим лүһүгүр лаһыгыр тыаһаата да мин аттыбынан сирилэтэн ааста. Киһим сирэйин элэс көрөн аһардым. Сирэйин моһуона көнөн хаалбыт. Миигин хата, сиир халты харбыалаан ааста. Мин эмиэ аллараа сайыһан барсар буоллум диэн санаа элэс гынан ааста. Хата турба биир өттүнэн баран турбаҕа быабыт иҥнэн, онон өрүһүннүм. Син балайда өр эдьиийбитин хаһытаан ыҥырдыбыт. Эдьийбит тахсан хаһыы ыһыы бөҕөтө буолаахтаата тиийэн кирилиэһи тардыалаан көрөөхтөөтө да, киһим охтуу кэннэ тоһоҕолоон кэбиспит эбит. Эдьиийбит хоспохтоох ыалыгар көмө аҕала сүүрдэ. Тоһоҕо туурардаах кэллин диэн хаһытаан хааллыбыт. Мин көлөттөн, киһим ыйанан, оннук балайда кэтэстибит.

Киһим истиэнэттэн тэбинэн киһини хаста да хаһытата сырытта. Турбабыт сыыйыллан кэлээри куттаталаата. Эдьиийбит барахсан ыалын батыһыннаран аҕалаахтаата да тоһоҕо туурара суох кэлбит эбит. Аны киһибит төннөр буолла. Гаражпар баар, күлүүһэ дьиэбэр игин диэн тугу эрэ ботугуруу ботугуруу төттөрү барда. Эдьиийбит холуочугар тэптэрэн ыйанан турар атаспын тылынан дьиибэлиир. Тыал хантан үрэрин билгэлээн, тэйбэҥнии тураҕын дуу игин диэн күллэртээтэ. Быам испэр быһа киирдэ игин дэтэлиир. Дьэ да кэтэстэххэ уһуна, өрө. Арааһата уонча мүнүүтэ буолла быһылаах. Ыалбыт аҕалаан мэҥэлээн дьэ кэллэ. Кирилиэһинэн тахсан иһэн тоһоҕо туурарын мүччү тутан төттөрү түһэн ылла. Тоһоҕобут уон иккилээх. Балайда өсөһөн баран сыыллан кэллэ. Аны быыһааччыбыт өйө бааллан кирилиэһи мин диэки сыҕарыта охсубут. Аны төттөрү көһөрөн киһибин дьэ быыһаата. Мин турбаттан тутуһан олоробун. Ол олордохпуна турбам сыылынна да турбабын кууспутунан аны мин аллараа бардым. Хата аллараа баран иһэн, ситэ көһө илик кирилиэстэн аҥаар илиибинэн тутуһан өрөһүннүм. Ээ чэ, олох сатамматыбыт, киирэн уоскуйан чэйдээн диэн чэйдэтэ ыҥырда. Киһим олох кэлэҕэйдээбэккэ саҥарар буолбут эбит. Хайа аанньа буолуой син балайда салгыҥҥа ыйанан турбут киһи. Итирбит да киһи өйдөнөр балаһыанньатыгар киирэн таҕыстаҕа. Эдьиийбит арыгы кутаттыы олорон бүгүн олох хайаан да бүтэрэҕит диэн кытаанах кытаанахтык этитэлээтэ. Биһи сөпсөһөн тоҥхоҥноһобут эрэ. Эмиэ биир иһити бүтэрэн баран хомунан таҕыстыбыт. Аны мин хаары түһэриэм диэн, хаары түһэрэрдии хамнанан көрдөрдө. Эмиэ тардыалатар буолбут эбит. Киһим миигиттэн быдан эттээх сииннээх, быаттан тутуһан аллараа түһэн иһэн аны киһим эмэҕирэн бэйэтэ да нэһиилэ сытар хаптаһыны дьөлө үктээн, атаҕа кыбыллан хаалла. Аллар атаһым аҥар атаҕын сулбу тардан ылаары эккирээбитигэр кырыыһабыт ис тутулуктара уйбакка, кырыыһабыт аҥар өттө иҥнэс гынан хаалла да, киһим бэйэтэ да сүрэҕэ бааһырбыт киһи, өлөр хаһыытын кыланаат курданарыгар диэри батары түһэн хаалла. Мин "оо" эрэ диэн саҥа аллайан хааллым. Киһим эмиэ кэлэҕэйдээбэккэ саҥарар буолан хаалаахтаата. Дьэ бу сырыыга ким да көмөтө суох бэйэтэ босхолонно. Аны кырыыһа көтүрэн кырыыһа эмиэ оҥорор буоллубут. Дьэ ол буолан, хаарбытын түһэрэн бүтэрэн, турбабытын оннун булларан, кырыыһатын алдьаппытын эппэкэ дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Дьиэбэр тиийэн эдьиийим кэлэрин кэтэһэн туох диирбин тылларбын сааһылана сыттахпына тиийэн кэллэ. Мин саҥата суох олоппоһу ыйабын. Олорон эрэ саҥата суох миигин көрөн олорон баран тахсан истэҕинэ өйдөөтүм, оҥоруом эдьиий диэтим эрэ. Сарсыҥытыгар дэриэбинэ туолбут. Ок хаар түһэрээччилэр игин дэһэн күлсэр буолбуттар этэ. Биир толору саас үлэлиир үлэлэммикит игин дэһэллэр. Дьэ оннук хаар түһэрэн турардаахпыт.

2020 сыл. Хаар түһэриитин кэмэ.

УРУТ.

Добавить комментарий