Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһы кыыһа

Главная / Кэпсээннэр / Абааһы кыыһа

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 174
05.11.2024 20:21
4k 0

An image to describe postАйыы Куо - 29 июля 11:01

"Привет! Как дела?"-диэн Катя уолу кууһан ылла. "Привет!"-мичилийэн Коля кыыһы иэдэһиттэн сыллаан ылла. "Ээ, бу эдьиийбэр баран иһэбин, туохха эрэ ыҥырда дьии, саатар эппэтэ. Хара сарсыарда суруйан, звоннаан кэоэ оҕус диэтэ. Туох буолта буоллар?"-дии дии Коля суол устун бэрт түргэнник хаамта. Катя кэнниттэн ситэн тиийэн кэккэлэһэн хаамыста. "Оттон бэҕэһээ кэпсэппэтэххин дуо, эдьиийгинээн?"-диэн кыыс ыйытта уолтан. "Суох. Даша миэхэ эрийбэтэҕэ уонча хонно, миигин бэйэм эрийэм, наадыйдахпына, мээнэ эрийимээр диэбитэ. Бүтэһик кэмнэргэ Даша хайдах эрэ миигин тэйитэр курдук санаабар, уларыйбыт аххай тоҕо эрэ."- диэн кэпсээтэ Коля. "Эчи муокаһын даҕаны! Эһиги иккиэйэх бэйэҕит бэйэ бэйэҕитигэр көмөлөсүһүөхтээх этигит бо! Кини эниигин улаатыннаран таһаарбыт киһи быһыытынан тэйиппэтэ буолуо. Ити эн бэйэҥ оннук курдук саныырыҥ буолуо дьи?"- диэтэ Катя. "Чэ, билбэтим". Икки этээстээх мас дьиэҕэ кэлэн баран, Коля эмискэ подьезд иннинэ тохтуу түстэ. "Табаахтыыгын дуо, Катя? Мин табаахтыам мин, бастаан онтон киириэм"- диэн баран, Коля табаах уматынна уонна үөһээ иккис этээс диэки көрөн турда. "Тоҕо бу уол долгуйда? Эдьиийэ туох буолткй? Тоҕо миэхэ тугу да кэпсээбэтий?"-диэн Катя табаарыһын көрөн саныы турда.

Дашалаах Коля бииргэ төрөөбүт эдьиийдии бырааттар этилэр. Кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ, ийэлээх аҕалара бу дойдуттан эрдэ туораабыттара, массыына аварияттан. Кыыстаах уолу эбээлэрэ ылан иипитэ. Эбээлэрэ Кэтириис сиэннэрин олус таптаан ииппитэ, бэйэ бэйэлэрин харыстыырга, көмөлөсүһэргэ угуйааччы. Даша 19-гар, Коля 15-гэр эбээлэрэ өлөөхтөөбүтэ, дьиэтин уотун сиэннэрин аатыгар хаалларбыта. Даша быраатын олустук таптыыра, бэйэтин аатыгар опекунство суруттаран, оҕодьиэтигэр биэрбэтэҕэ. Даша повар идэтин баһылаан повардыыра столовойга, бөһүөлэккэ. Коля оскуолатын бүтэрэн армияҕа сулууспалаан дойдутугар төннүбүтэ. Суоппар үөрэҕэр бэрт түргэнник туйгуннук үөрэммитэ. Бөһүөлэктэригэр биир тутаах үлэһитинэн аатырара. Даша хара сарсыарда эрдэттэн киэһээ хойукка дылы үлэлиирэ. Бу 25 сааһыгар дылы табаарыстамматаҕа да оҕоломмокко сылдьара. Оттон Коля армияттан кэлэн Катялыын билсэн сылдьаллара. Даша Катяны сөбүлээбитэ, быраатын кэргэннэниэххин наада этэ диирэ. Коля ыксаабакка, дьиэлэннэххэ уоттаннахха биирдэ диирэ, Катя да ыксаабат этэ. Кини пединститутка учуутал идэтигэр үөрэнэрэ куоракка, үһүс куурска. Сайын кэллэҕинэ иккиэн көрсөн ирэ хоро кэпсэтэллэрэ, күүлэйдииллэрэ.

Табаахтаан бүтэн Катяны илиититтэн ылан ситэн подьездка киирдилэр. Подьезд иһэ хараҥа, уу чумпу. Аргыый аҕай иккис этээскэ хаамтылар. Үс аан баарыттан уҥа, 12 с нүөмэрдээх аан иннигэр тохтоотулар. "Хайа? Туох буоллуҥ? Тоҕо тохтоотуҥ? Тоҥсуйууй!"- диэн ыйытта Катя. Коля ааны тардан көрдө, аана аһыллан кэллэ. Ааны аһан иһигэр хардылаата, дьиэ иһэ чуумпу, хараҥа. "Эдьиий! Дашенькаа!"-диэн аргыыйдык ыҥырда эдьиийин Коля.Ким да саҥарбата. Уоллаах кыыс хараҥа дьиэҕэ киирэн ааннарын сабаннар дьиэ иһигэр хаамтылар. Катя хайдах эрэ этэ тымныйда, илиитин ыытан бистэ уонна туран хаалла. Коля бэйэтэ киирэн бара турда. Кухняҕа киирдэ, штора сабыылааҕын көрөн арыйа баттаата."Бу туох ааттаахтык саптыбытый!?"-диэн баран хос диэки хаамта.Хос аанын аста уонна өҥөйөн көрдө:!"Даша?"- диэн эдьиийин ыҥырда. Даша хоско суоҕа, ороно хомуллан турара, туох да ыһыллыбатах этэ. "Хайа, бу ханна баарый?"-диэн соһуйда уол. Иккис хоско эмиэ суоҕа эдьиийэ, түгэх киэҥ хоско барда. Киирбитэ, эмиэ ким да суоҕа, түннүк штората эмиэ сабыылааҕа. "Хайа, Даша ыҥыран баран ханна бартый бу!"-диэтэ улаханнык Коля. Катя кэнниттэн киирэн дьыбааҥҥа олорунна уонна эттэ'"Маҕаһыыҥҥа иҥин таххыбыта буолуо дьи, звоннаан көрүүй"-диэтэ. Коля телефонун сиэбиттэн хостоон Дашаҕа звоннаан барда. "Абонемент не доступен"- диэн иһилиннэ. "Одьэ! Хайдах буолтуй бу Даша!"-диэн кыыһырбычча эттэ уол. "Чэ, ыҥырбыт буоллаҕына, кэлиэҕэ. Кыыһырыма эдьиийгин. Хата, баран чэйдэ өрөн, кэтэһиэх"-диэн баран Катя кухня лиэки Коляны сиэтэн барда. Чэй оргута уурда, остуолу бэлэмнээн барда уонна.

Коля хаста даҕаны эдьиийигэр эрийэ сатаата да, не доступен дии турара төлөппүөнэ. Ол олордохторуна аан тыаһаата уонна биллибэт куолас хаһыытаан ыйытта:"Ким баарыый?" Коля соһуйан аан диэки хаамта уонна көрүдүөр уотун уматта:"Мин, Колябын"- диэтэ. Аан таһыгар эмээххин турара:" Ээ, Коленька кэлбит эбиккин дьии"-диэн үөрдэ. "Оттон эн кимҥиний?"-ыйытта уол."Мин Балбаарабын! Аллараа олоробун"-диэтэ эмээххин. "Эдьиийим Дашаны көрбөтөҕүҥ дуо? Сарсыарда эрдэ кэл диэбитэ, ол иһин бу кэлбитим кини суох, төлөппүөнүн ылбат дьии"-лиэтэ Коля.

"Ээ, Дашаны көрбөтөҕүм"-диэн эппиэттээтэ Балбаара уонна аргыый эргиллэн таххан иһэн эттэ:"Эдьиийиҥ тылын истээр" таххан барда. Коля бэртик дьиктиргээн баран улахан хос түннүгүнэн өҥөйөн көрдө таһырдьаны. Таһырдьа номнуо күн үөһээ таххан күүскэ тыган итиитин бэоэхтиирэ, халлааҥҥа биир да былыт көстүбэт этэ. "Бу эдьиийим ыксатан баран, ханна сүттэҕэй бэйэтэ бу?"- диэн толкуйдуу турда Коля. Кухняттан бэрт минньигэс сыт кэлэн муннуга саайда. "Чэ, кэоэр ини"-диэн баран кухняҕа барда. Катюша түргэн тарҕан туттуулаах буолан, бэрт түргэнник ас бөҕөтүн астаан остуолун толорон бистэ. Алаадьы, салаат уонна минньигэстэрин уурталаан тэлгэттэ. "Мин чыычааҕым аччыктаатыҥ дуо?"-бэрт минньигэстик саҥара көрүстэ Коляны. Коля мичилийэн дьүөгэтин күүскэ кууһан баран уоһуттан сыллаан уураан ылла, "Эн баар буолаҥҥын мин бу сиргэ бэрт дьоллоох киһибин!"- диэтэ.

Катялаах Коля күлэн үөрэн аһаан бардылар. Арай эмискэччи тыас уус бөҕөтө буолла аан диэкиттэн. "Колыыыы!"-диэн хаһыы иһилиннэ. Коля олоппостон ойон туран быһаҕы илиитигэр хайдах илиитигэр татан хаампытын да өйдөөбөккө аан диэки ойдо. Көрбүтэ, хайа эрэ хара уһун арбайбыт баттахтаах дьахтар аантан сыыллан иһэрэ."Көмөлөөс! Көмөоөөс!"- дии дии Коля диэки сыылынна. "Тугуй бу? Кимҥиний!"-диэн кутталыттан хаһытаата уол. "Мин дьи, бу мин Дашабыын!"- диэн эттэ дьахтар уонна өрө көрдө. Кырдьык даҕаны, бу дьахтар Даша харахтарынан көрөн сытара, харахтара уолу тобула көрөн, "Абыраа! Быһаа!"-диэбитти көрөллөрө. Оттон этэ сиинэ Дагаҕа маарыҥнаабат этэ, Даша арыыйда эттээх сиинньээх, уһун уҥуохтаах, сырдык уһун баттахтаах этэ. Оттон бу тугуй ду, кимий ду? Бу тоҕо маннык дьаабыланыай, эльиийим барахсан?"- диэн араас санаа ыйытыктар таҕыстылар уолга. "Эдьиийбин ханна гынныҥ? Эппиэттээ, дьиикэй! Өлөрүөм!"- дии дии хаһыытаата уол. Катюша уолуйан, куттанан олоппос үөһээ таххан часкыйа ытаан барда. Эмискэччи дьахтар титирэстээн, такыаланан, хаһыы таһааран баран тохтоон муостаҕа сытынан бистэ. Дьиэ иһэ уу чумпу буолла. Коля аргыый аҕай чугаһаан дьахтары атаҕынан таарыйан көрдө, дьахтар хамсаабата. Өрө тыынан төбөтүн өндөс гынна, Коля көрбүтэ бу дьэ кини эдьиийэ, Дашуля сытар эбит. Уол эдьиийин көтөҕөн ылан хоско киллэрэн ороҥҥо сытыарда уонна сырайыаттан баттаҕын сыҕарытан ытыы ытыы хаһыытаата"Эдьиий! Дашенькааа! Туох буоллуҥ! Тур! Тур! Өрөһүй! Барыма миигиттэн!"-дии дии Коля эдьиийин саннытыттан сахсыйда. Даша ньэһиилэ тыына сытан хараҕын арыйда. "Айыы айаа! Эмиэ бу мин маннык куһаҕан тыыннаах сыттым дуо?"- диэн аргыый саҥарда. Коля эдьиийин кууһан ылан дьэлби сирэйиттэн ытыы ытыы сыллаан барда. "Тоҕо! Тоҕо маннык буолаҕыный? Ыарыы былдьаан эрэр дуо миигиттэн?"-диэн ыйытта быраата. Катя хоско киирэн Коля таһыгар олордо Даша диэки көрөн. "Ээ, мин оҕом кыыһын аҕалбыт дьии. Катенька, Коляны харыстаа, үчүгэй ыал буоларгытын баҕарабын, бэйэбэ бэйэҕитин өйдөһөн, өйөсүһэн олорооруҥ"- диэтэ Даша. Коля эдьиийин истэн соһуйан ыксаата:"Тоҕо иннэ диигин? Бары бииргэ үчүгэйдик олоруохпут дьии, эн үчүгэй эр киһини көрсөҥҥүн ыал ийэтэ буолуоҥ дьии! Кытаат, мин быраас ыҥырыам, эн эмтэнэҥҥин үтүөрүөҥ!"- дии дии Коля төлөппүөнүн ылан эрийэн барда. "Тохтоо, сыллый! Айманыма! Мин ыарахан ыарыылаахпын, хайа да быраас көмөлөспөт миэхэ. Хата уоскуйуҥ уонна истиҥ миигин"- диэтэ Даша. Кыыстаах уол ньэһиилэ тыыннарын ылан арыыйда уоскуйаннар эдьиийдэрин истэн олордулар.

Коля, эн миигин тэйитэр дии санаабытыҥ буолуо диэммин саныыбын. Оннук буолбатах, мин эниигин быыһаарыбын кэпсэппэт этим. Мин уонча хоннум маннык ыалдьыбытым. Өйдүүгүн дуо эбээбитин? Кини миэхэ кэпсээбитэ: бу кини өттүттэн хос хос эһээтэ удаҕан дьахтарга иирэ сылдьан кэргэн ылбакка эбээ хос хос эьэтин кэргэн ылбыт эбит. Ону, ол удаҕан дьахтар эһээ өттүнээҕи дьиэ кэргэттэрин дьөлө саҥарбыт. Дьоло суох дьон буоллуннар диэн. Ону эһээбит кинини албыннаары оҕолорун хас да аат биэртэлээбит даҕаны кини өттүттэн биирдии эрэ оҕолор хаалаллар эбит. Ол, эбэтэр биһи эбэбит, аҕабыт буолаллар. Коля, эн мин билэрбинэн атын ааттааххын, ону миэхэ эбээбит эппэтэҕэ, куоттараары, онтон мин эмиэ хас да ааттаахпын, ону акаарыбар дьиҥнээх ааппын этиттэрбитим, ол кэннэ эбээбит биһиигиттэн барбыта, тэйэн. Ону мин эрэ билэбин туохтан бартын бу сиртэн. Ол буруйбар мин бу абааһы кыыһа буолан эрэрбиттэн хомойобун. Куола! Иһит! Оҕолонноххуна оҕолоргор хас да ааты биэрэҥҥин абааһыттан куоттараар, дьиҥнээх ааттарын этимээр кимиэхэ даҕаны. Мин ол иһин эбэбит кэпсээбитин кэннэ табаарыстамматаҕым, оҕоломмоппун. Эниигиттэн тэйитээрибин бэйэбэр иҥэрмнэммин бу ыалдьа сылдьабын. Чэ, бу манан мин кэпсиирим суох. Оҕолорум бараххаттарым, барыҥ уонна төннүмэҥ манна, миигин отойун санаамаҥ. Мин абааһы кыыһын бэйэбэр илдьэ хааламмын барыам. Өйдөөҥ, мин эниигин таптыыбын, Коля! Чэ, сүтүҥ! Барыҥ! Абааһы кыыһа төннөн эрэр! -диэн баран Даша дьүһүнэ харааран, этэ сиинэ кыйбаҥнаан барда, Барыыыыҥ! Диэн хаһыы иһилиннэ уонна. Коля Катяны илиититтэн сарбаан баран таһырдьа ойдо. Подтезтан сүүрэн барбыттарын өйдөөбөккө да хааллылар иккиэн. Коля эбээтэ кырдтык даҕаны туох эрэ кистэлэҥнээх этэ. Уолу куруук эмирийэ эмирийэ тугу эрэ ботугурааччы этэ . Ону уол ыйыта сатыыра, истэ сатыыра да эбэтэ эппиэттээчитэ суоҕа. Коля Катяны кытта бэрт өргө дылы сүүрэннэр бөһүөлэк түгэҕэр тиийэн биирдэ тохтуу биэрдилэр. "Ити эдьиийиҥ туох диэбитин олох өйдөөбөтүм дьии!"-диэн эттэ кыыс. "Бүт! Аны мин соҕотохпун! Ким да суох мин тулабар! Эн уонна мин эрэ баарбыт, сөп дуо, Катя? Куттаныма, мин эниигин хпрыстыам уонна кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа!"-диэтэ Коля. Ол турдахтарына, хап хара былыт буруо таҕыста бөһүөлэк ортотуттан уонна саллаан диэки уста турда. Коля кулгааҕар тыас уус иһилиннэ, хаһыытыыр тыас курдуга. "Ити эдьиийим бараххан абааһы кыыһын бэйэтинэн илдтэ саллааҥҥа көттө буолуохтаах"- дии саныы ьүстэ уонна сиргэ олоруна түстэ. Кыыстаах уол куустуһан сиргэ сыттылар өр кэмҥэ. Онтон Катя эттэ:"Чэ, миэхэ бардыбыт дьиэбэр. Миигиттэн куттаммат буоллаххына" Коля кыыһы сыллаан ылла уонна эттэ:"Эн мин дьолум буолуоҥ дуо? Кэргэн таҕыс миэхэ!" Кыыс үөрэн сөбүлэһэрдии уураан ылла уолу. ИТИ курдук урукку удаҕан эппит тыллара Даша бэйэтинэн бүтэттэрэн хаалбыт быраатын кэнчээритигэр тиийтэримээри бэйэтигэр иҥэринэн илдьэ бардаҕа бу. Колялаах Катя куоракка көһөннөр ыал буолан биэс уол бухатыыр, үс кылба маҥан кыыстанан дьиэ уот оттунан элбэх үөрүүнү билбиттэрэ. Абааһы кыыһа кинилэргэ тиийбэтэҕэ. Эдьиийэ эппитинэн хас биирди оҕолоругар үстүү аат биэрэннэр абааһыттан куоттарбыттара чахчы курдуга.

Добавить комментарий