Кэпсээ
Войти Регистрация

Ат сүүрдээччи

Главная / Кэпсээн арааһа / Ат сүүрдээччи

K
edersaas.ru Категорията суох
10.10.2023 14:00
Бүгүн кыһыны атаарыы бырааһынньыгар эргиччи сүүрдүөхтээхтэр. — Атаххын ат холугар тэбэ сылдьыма, түргэнник сылайыа. Сүүрдэргэр умса нөрүйэн хаптайан ис. Эргииргэ сэрэнээр, ыктардахтарына кэлин өттүгүн көрөн иһээр. Атыҥ иннилэригэр түһэн иһэр буоллаҕына, чугаһыыр кэмнэригэр эрэ кымньыылаар. Бэйэтэ дьаалытынан барыаҕа. Аһара ыкса кэллэхтэринэ, баҕар, курууктан халыйан тахсыаҕа, сэрэнээр, – диэн сүбэлии-сүбэлии ат хаһаайына уолу ат үрдүгэр олорто. Чаҕыл үрдүк ат үрдүгэр баар буолла. Бу аты саҥа сүүрдэр. Хантан эрэ аҕалбыттар, сураҕа, икки биэни биэрэн туран ылбыттар үһү. Айаҕа кытаанах эбит, сүүрүүгэ түһүөхтээх аттар аттыларыгар тиийээт, уоҕурҕаан саҕалаата. Баһын буккуйар. Ойоҕоһунан хаамар. Моонньун токуруччу туттан үҥкүүлүүр. — Ок-сиэ, дьэ кырасыабай сылгы эбит, — дьон уол атын сөҕө-махтайа көрөллөр. Дьон бөҕө хара тордох курдук мустубут. Ыас хара ат, кэлин атахтарыгар элэмэстэрдээх, илин атахтарыгар чуккулаах. Сүүһүгэр синньигэс маҥан сурааһын малааннаах. Уоҕурҕаан, тэйиэккэлээн Чаҕыл уолу сылатара буолла. «Бөһүөлэгэр боруобаҕа сүүрүүгэ халыйбатаҕа. Билигин дьэ хайаһар» дии саныыр уол. Ат сүүрдүүтэ манан аҕай буолбатаҕын этинэн-хаанынан билбит буолан саллар. Килэҥ мууска бу үлүгэр үрдүк аттан оҕуннахха иэдээн. Сороҕор соруйан охторор «седоктар» баар буолаллар. Кыра уҥуохтаах улахан уолаттар сүрдээхтэр. Соруйан күөйдэрэллэр. Былырыын биир уолу ситэн ааһан эрдэҕинэ, атаҕын өрө тэбэн охторбуттара. Сорох ардыгар аттарын кымньыылаабыта буолан, ситэн кэлбит аты сирэйгэ биэрэллэр. Оччоҕуна ат күөйэ көтүөн баҕарбат буолар. Дьэ, аттары түһэрээри биэтэккэ аҕаллылар. Ат хаһаайына кэлэн, төбөтүн буккуйар, өрө турар атын тэһииниттэн сиэтэн аҕалла. Алта ат тэҥҥэ хатыһар буолбут. “Чэй!!!» – диэн хамаанданы кытта аттар түһүнэн кэбистилэр. Чаҕылы ат сиэлэ сирэйин таһыйар, муус буолан, хата, ат туйаҕын иһэхтэрэ көппөттөр. «Бу ат уһун тыыннаах, онон иккис эргииргэ көрөн таһыйаар. Иннилэригэр иһэр буоллаҕына таһыйа сатаайаҕын, баҕар, халыйан тахсан хаалыа» диэн хаһаайына эппитин саныыр. Чаҕыл сүүрдэр ата Ураган төрдүс сүүрэн иһэр. Бастакы эргииргэ көрөөччүлэр тоҕуоруспут сирдэринэн ааһан иһэн, дьон айманар саҥатын иһиттэ. Ханна эрэ кини хаһаайына ордоотуура иһиллэн ааста. Иннигэр иһэр ат боккуобата туллан иһиирэн кэлэн, Чаҕыл чэчэҥэйин сиирэ суруйан ааста. Бэргэһэтэ көттө. Ат онтон сиргэнэн курууктан хаарга халыйан таҕыста. Чаҕыл төттөрү киллэрэ сатаан биир өттүгэр салайаары тиэрэ түһэ-түһэ тардар. Ата истибэт. Уол чысхааннаах тыаллаах күн буолан кулгааҕа үлүйэн «тыс» гына тыаһаата. Улахан эрэйинэн муус эргииргэ киллэрдэ. Боккуобата көппүт ат халтарыйан тас иэнинэн баран түстэ. Чаҕыл ата, хата, сиргэнэн туора ыстаммакка ойон ааста. Охтубут аты сүүрдээччи уол, хата, мууска түспэтэ. Эһиллэн баран булдьозер анньыбыт хаарыгар түстэ. Чаҕыл дьэ, икки өттүгэр кымньыылаан куһурҕатта. Ат маны сөбүлээбэккэ кутуругун эрийэ-эрийэ сүүрүүтүн эбэн биэрдэ. Иннигэр иһэр икки аты ойоҕолоон ааһан иннилэригэр түстэ. Эмискэ хайдах кэлэн ааспытын атын жокейдар өйдөөбөккө да хааллылар. Аттарын харса суох таһыйаллар. Биэтэк чугаһаата. Өссө
биир ат бу кутуруга хоройон иһэр. Чаҕыл таһыйа сатыыр. Анараа ат хомуут анньарынан бастаан иһэр. Уол аппын сирэйгэ табыа диэн саллар. Сүүрбэччэ миэтэрэ чугаһаатылар. Дьон хаһыыта ньиргийэн иһилиннэ. Уроган дьон хаһыытын истэ үөрүйэх эбит, моонньун уһатан ойуолуур. Кыратык эбэн биэрдэ. Төбө аҥарынан биэтэккэ бастакы киирдэ. Өссө да холоруктуу сылдьар атыттан Чаҕыл дьэ түстэ. Ыстаана бүтүннүү ат көлөһүнэ буолбут. Ыҥыыра да, тэллиэтэ да суох сүүрдэллэр. Бииринэн эмиэ да ордук курдук. Ыҥыырдыыллара буоллар, маарыан охтубут уол ыҥыыр иҥэһэтигэр атаҕыттан иҥниэ этэ. Ураган иккис киирдэ диэн судьуйалар мөккүөр тардыбыттарын, уксар дьон көрбүт буолан айдааран, мөккүһэн ыраас кыайыыны биэрдилэр. Уроган хаһаайына үөрүүтүттэн атын таптайбахтыыр. Онтон сүүрдээччитин саҥа көрбүттүү: — Мэ, бар, мииммэккэ сиэтэн хаамтара түһэн кэл. Уоскуйа түстүн, – диэтэ. Уол икки кулгааҕа үлүйэн иһэлийэн тахсыбытын аахайбата. — Хаардатыма! Хайдах бачча киһи ат айаҕын кыайбаккын! – эбиитин мөҥүттүүлээх буолла. Чаҕыл атын хаамтара түһэн баран аҕалан баайда. Уол аччыктаан иһэ курдьугунуур. Маарыан бөһүөлэктэриттэн эрдэ арахпыттара. Улуус киинигэр диэри биэс чааһынан айаннаан кэлбиттэрэ. Уол кулгааҕыттан хаан оҕуолаабытын хаарынан суунна. Харчылаах кэлбит оҕолор ас атыылаһан сииллэр. Уол арыгыһыт дьонноох оҕолор сиэрдэринэн кэлтэгэй кэппиэйкэтэ да суох. Хата аҕата: — Нохоо, аккыт бастаатаҕына миэхэ биир эмэ иһит абырахта таһаараар, – диэн үлэһэн хаалбыта. Онон уол аҕатыттан мөҕүллүмээри туох эрэ иэстээх курдук санана сылдьар. «Баҕар, хаһаайыным тугу эмэ «дук» гынаарай”, – диэн аттыгар чугаһыы сырытта да, киһитэ киниэхэ эрэ наадыйбат. — Нохоо, ат сойбута буолуо. Бар, ол сыарҕалаах аттан ылан отто хабыалат, – диэн көбүөлээтэ. Уол оҕолор үтэһэлээх эт сии сылдьалларын көрөн силин быһа ыйыһынна. Биир уол «петушок» кэмпиэт бэрсибитин эмэн баран атын аһатта. Аттыгар бааллан турар ат хаһыҥыраан моонньун токуруччу тутунна, өрүтэ тэбиэлээтэ. — Нохоо, аккын тэйиччи баай! – ханнык эрэ киһиттэн хаарыллан ылла. Кыайыылаахтарга бириис биэртэлээтилэр. Хаһаайына төһөнү ылбыта буолла. Ол кэмҥэ уолга эттэ: — Бар, ол аккын ойбоҥҥо уулат уонна эбиэстэтээр, – диэтэ. Уол хаһаайынын сорудаҕын толорон кэлбитигэр киһитэ икки солкуобайы биэрдэ. Уол остолобуойга баран биир солкуобайынан аһаата. Иккиһинэн балтыгар кэһии атыыласта. Киэһэлик дойдулуур суолларын туттулар. Сорох дьоно итирэн, айаан-быйаан ырыалаах-тойуктаах айаннаатылар. Чаҕыл биир уоллуун биирдии аттаах баран истилэр. Сорох куоталаһан, сүүрдэн бурҕата турдулар. Бөһүөлэктэригэр чугаһаан, талах ойуурга тиийиилэригэр икки обургу ат сүүрдээччи уолаттар ситэн ыллылар. Арыгы иһэн холуочуйбуттар. — Эн бастаатым диэҥҥин олох аатыран иһэҕин дуу? — Мин бастыам дуо, ат бастаатаҕа дии. — Хайа, өссө күрүчүөктэһиэх курдук саҥараҕын дуо? — Суох ,– эмискэ уол сирэйэ уот аһыйа түстэ. Ата сиргэнэн ыстанна. Атаҕа адаарыйан хаардаах чалбахха баран түстэ. Ураган өрө тэбэ-тэбэ сүүрэн кутуруга хоройо турда. Уолаттар
күлэ-күлэ ааһа турдулар. Чаҕыл охторугар быарын доргутан, тыынын нэһиилэ ылла. Доҕоро куоппут аты эккирэттэ. Чаҕыл доҕоро аты сырсан барбыта да, тоҕо эрэ өр буолла. Уол туос сатыы хааман бөһүөлэккэ кэллэ. Халлаан киэһэрэн, тоҥон титирээтэ. Атаһа аты нэһиилэ туппут. Хаһаайыныгар илдьэн биэрдилэр. Дьиэтигэр кэлбитэ дьоно үгэстэринэн арыгылыы олороллор. Уол кулгааҕа үлүйэн, сирэйин кымньыынан охсубуттара кыһыл дьурааламмыт. — Эмиэ аттан оҕуннуҥ дуо? Хайастыгыт? – аҕата ыйыта тоһуйда. — Бастаатыбыт. — Бэрт эбит. Маладьыас! Тыый, онтон сууйуута? Арааһа, уолгар харчы бөҕөнү «дук» гыннаҕа дии, – иһэ олорор дьон күө-дьаа буоллулар. Уола хоско киирбитигэр аҕата. — Төһөнү биэрдэ? Ордорон аҕаллыҥ дуо? — Икки солкуобайы биэрбитэ бүттэҕэ дии. Сарсын икки буулка килиэп ыларга диэн хааллардым, – уол балтыгар кэһиитин биэрдэ. — Ол иһин даҕаны, төһөккөөнү биэрээхтиир үһүө, – аҕата кэлэйбиттии туттан хостон таҕыста. — Төһөнү биэрдэ, аҕалыый, мин бара охсон кэлиэм, – биир арыгыһыт ыххайар. — Ээ, па, аҕыйаҕы биэрбит. Сарсын килиэп ыларга хаалларбыт. — Килиэби ойоҕуҥ астыа буоллаҕа дии. — Ханнааҕы бурдукпунан? — Бу да киһи, оҕоҕуттан ыйыта да турарыҥ баар ээ. Аҕал да баас диэтиҥ да, бүтэр буоллаҕа, – арыгыһыт эппитигэр Чаҕыл хостон тахсан, хаалбыт бытархайын аҕалан остуолга ууран биэрдэ. Уол тонолуппакка көрбүтүгэр, иһээччи, киһи эрэ буоллар халты көрдө. — Кэбис, дьонтон бүтэһиктэрин көрдөөмө. Ити оҕолоро аанньа аһаабатахтара да ыраатта, – иккис киһи буойда. Иккиэн дьиэттэн тахсан бардылар. Биирдэ Чаҕыл балтынаан бытыылка хомуйдулар. Сууйан баран сарсыарда маҕаһыыҥҥа илдьэн туттарыах буолан үөрэ кэпсэттилэр. Саатар минньигэс ас атыылаһан сиэхтэрин баҕараллар. Күнүс оскуолаттан кэлбиттэрэ, аҕалара били дьону кытта оҕолор күнү быһа көрдөөн хомуйбут бытыылкаларын туттаран арыгылыы олороллор. Остуолга «гымза» диэн улахан төгүрүк сиэккэлээх бытыылка көстөр. Бэйэтэ биэс лиитэрэлээх быһыылаах. Холуочуйан кытара үллүбүт киһи кэпсиир. — Үнүр быраатым соҕуруу дойдуттан бу маннык арыгыны сүгэн-көтөҕөн аҕалбыта. «Дьэ убайбар сонун арыгыны, хаһан даҕаны аһаабатах аһын илдьэн үөрдүөм» дии санаабыт. Маҕаһыын аттынан ааһан иһэн көрбүтэ, дьон маннык арыгыны иһэ олороллор эбит, – Кыһыл Сирэй кэпсиирин быыһыгар ийэлэрэ дьонуттан бурдук көрдөөн аҕалан астаабыт лэппиэскэтин мас арыытыгар булаан мотуйар. Чаҕыл балта хоско киирэн ытаата. Уол балтын ааттыыр. Балта оҕолор минньигэс кэмпиэт сииллэрин ымсыырбыттыы көрөөччү. Уол балтын аһынан эмиэ хараҕа ууланна. Остуолга табах буруота унаарыйар. Итирик дьон саҥата ньамалаһар. Омос көрдөххө, бу дьон арыгы туһугар тугу баҕарар кэрэйбэккэ туран биэриэх көрүҥнээхтэр. Биир киһи дьону хайдах албыннаан сүүйэн испитин кэпсиир. Хаартылаан Нива массыынаны сүүйбүт. Ону кыайан доҋдутугар сүүрдэн илдьибэт буолан, онно атыылаан кэбиспит. Ону барытын атастарыныын испитин, киһи бөҕөнү күндүлээбитин үтүөнү оҥорбут курдук кэпсиир. Ол быыһыгар түүн маҕаһыыны арыттарбытын кэпсиир. Атыыһыт буолумматаҕын «эмээхсиним таҥаралаата»
диэн кубарыппыт. Онтон аны биир итирик муҥатыйан турда. Арыгы содулуттан икки илиитин үлүппүтүн көрдөрөр. Икки илиитэ харытынан суохтар. Арыгы туһуттан ойоҕо да, оҕото да суох хаалбытыттан суланар. «Эйигиттэн бу айылаах буоллум» диэбиттии култаҕар бытыылканы остуолтан ньылбы сотон түһэрдэ. Үһүс киһи «арыгыны тохтуҥ!» диэн киһи төбөтүн саҕа бытыылканан эҥил баска сырбатан эрдэҕинэ, харытыттан харбаан ыллылар. Чаҕыл бу итирикситтэри көрөн олорон улааттаҕына арыгы диэҥҥэ чугаһыам суоҕа диэн бэйэтигэр андаҕайда. Кини бу ас амырыын содулун этинэн-хаанынан биллэ. Чаҕыл Уйбаанабыс билигин улахан киһи. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Бэйэтэ ИП тэриммитэ. Сылгы иитэр. Сүүрдэргэ диэн туспа боруода аттары атыыласпыта. Кини билигин кыахтаах ыаллар ахсааннарыгар киирсэр. Быйыл ат сүүрдэн бөлөрүүс тыраахтар сүүйдэ. Аттарын бэйэтин уола сүүрдэр. Уолугар скутер ылан биэрбитэ. Уола ат хаамтарыан сүрэҕэлдьиир. Чаҕыл уруккутун санаан сонньуйар. Үйэ уларыйан, аныгы оҕолор сүрэҕэ суох буолан иһэллэр. Урут бэйэтин оҕо сааһа ыараханнык ааспыт буолан, оҕолорун аһара атаахтык иитэн эрэрин билинэр. Ыараханнык ааспыт оҕо сааһа олоҕун оҥосторугар ордук туһалаабыт курдук. Тоттук, дохсуннук иитиллибит оҕолор үксүн арыгыны батыһаллар. Кыһалҕа диэни хойутаан өйдүүллэр. Бу бүгүн эмиэ ат сүүрдээри ипподромҥа кэллилэр. Урут аттары сыбыдахтыы сүүрдэр эбит буоллахтарына, билигин ыҥыырдаах, шлемнаах сүүрдэллэр. Чаҕыл улууһуттан икки боруода аты аҕалбыта. Кыһын тымныыны тулуйбат буолан, ынах курдук хотоҥҥо тутар. Биирэ туус маҥан ат. Аата Холорук диэн. Синньигэс уһун атахтарынан дугунан, ойоҕоһунан үҥкүүлээтэҕинэ уһун хойуу сиэлэ үрэллэ ыһыллар. Иккиһэ — Казбек. Кыһыл буулуур. Холугар уонна өттүгэр хараҥа кыһыл чуоҕурдардаах. Чычаас соҕус да буоллар, сүүрээри түһэр кэмигэр тэлэкэчиҥнээн уоҕургуур. Аттыгар аттар чугаһаатахтарына ыгылыйан барар. Айаҕын таттара сылдьар. Аны аһара тардыалаатаххына, өрө турар. Билигин манна куоракка сүүрдэр үчүгэй. Хас ат ахсын биирдии туспа миэстэ (ууку) баар. Онтон сүүрэн тахсаллар. Чаҕыл аттара бүгүн эмиэ иккиэн бастаатылар. Бирииһэ — харчынан уонна УАЗ «Хантер» массыына. Ат баайан аҕалбыт эрэйдэрэ таах хаалбата. Аты сүүрүүгэ бэлэмниир эмиэ сылаалаах. Оҕо курдук бүөбэйдиигин. Сарсыарда эрдэттэн көстөөх сиринэн хаамтарыахха наада. Отун, эбиэһин кэмнээн биэрэҕин. Өрүстэрин баржанан туораан, сороҕун Урал массыынанан айаннаан, сороҕун хаамтаран кэлэҕин. Чаҕыл уола Ванька аттара бастаабыт буолан үөрүүтэ сүрдээх. Үөрүмүнэ, урут аҕата оннооҕор дьон атын сүүрдэн миэстэлэстэҕинэ үөрээччи. Биир солкуобайы биэрдэхтэринэ саха тэҥэ суох буолан, балтыныын бичиэнньэ, кэмпиэт ылан, уос-тиис үллэстэн сиэччилэр. Чаҕыл эмиэ дьонун суолунан арыгыны батыспыта буоллар, уола үөрэн чоҕулуччу көрөрө саарбах. Саатар, оҕолоро дьоллоох буоллуннар диэн, Чаҕыл бэйэтин төһө кыалларынан дьоҥҥо үтүө өртүттэн көрдөрө сатыыр. Урут бэйэтин сирэй-харах анньыбыттара да сөп буолуо. Улууһугар араас тэрээһиннэргэ, үлэлэргэ кыттыһа сатыыр. Тэрилтэлэр, оскуола даҕаны тугу эмэ эрэйдэҕинэ спонсордыыр. Куоракка балтыгар ыалдьыттаан аастылар. Балта Натааһа үөрэҕин бүтэрэн, училищеҕа преподавателлиир. Соторутааҕыта ыал буолбута. Убайын ааҕы үөрэ-көтө
көрүстэ. Ат сүүрдэн кыайбыттарынан эҕэрдэлээтилэр. Сарсыныгар бараары туран, Чаҕыл балтыгар харчы биэрдэ. Балта урукку оҕо сааһын санаан уйадыйда. Харахтара ууланан, атынан баран эрэр дьоннорун далбаатыы хаалла.
edersaas.ru сайтан