Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьахтар анала
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьахтар анала
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.03.2023 18:45
(Салгыыта) Сэгэрим, чахчы онтон ыла уруккутун курдук тохтоон кэпсэппэт, чэйдэтэ ыҥырбат, ас бэрсибэт буолбута. Ол эрэн, мин дьолбор, атыттар курдук сиргэммиттии, абааһы көрбүттүү эмиэ туттубата. Уулуссаҕа алҕас көрсө түстэҕинэ тонхох гынан дорооболоһорун биллэрэрэ уонна мичээрдээн ылара. Кини мичээригэр… аһыныы буолбатах, санньыар санаа толбоннуран ааһарга дылы гынара… Биирдэ саас маҕаһыынтан номнуо күннээҕи аспар кубулуйбут итии ууга буһар кытай лапсата атыылаһан тахсаары турдахпына, утары Арчы киирэн кэлбитэ. Оо, онно мин уон аҕыстаах уол оҕолуу долгуйдум да этэ. Ким эмэ өйдөөн көрбүтэ буоллар, олус соһуйуо, күлүү-элэк да оностуо эбитэ буолуо. Оттон мин кинини көрөр, табылыннаҕына аргыстаһан дьиэлиир баҕаттан таас нөнүө сытар табаары, ону-маны одуулаабыта буолан тардыллыбытым. Сэгэрим өрүү буоларын курдук миэхэ тонхох гынан дорооболоһоот атыыһыты кытары күннээҕини ону-маны кэпсэтэн барбыттара. Кэмниэ кэнэҕэс аһын атыылаһан бүтэн баран «Атыыга эт баар буолааччы дуо? Хаһан кэлиэй?» диэн ыйыталаспыта. Атыыһыт Аанчык сапсыйан кэбиспитэ. Аны күһүн идэһэ кэмигэр эрэ нэһилиэк дьоно бэйэлэрин сүөһүлэрин өлөрөн атыылыахтарын сөбүн туһунан эппитэ. Онтон тохтуу түһэн баран: «Сотору кус көнүллэниэ дии, кимтэн эмэ куста көрдөһөн сиэххин сөп этэ», — диэн эбэн эппитэ. Онуоха Арчы күлэ-күлэ: «Оҕом улаатан бултуу үөрэннэҕинэ, син мин да кус амсайар инибин», — диэбитэ. Мин онуоха «Арба кустуур диэн баар этэ дии!» диэн оройго бэрдэрбиттии таһырдьа ойон тахсыбытым. Арыгыга умса түспут омуммар кустууру, бултууру кытары умнубуппуттан бэйэбин мөҕүттэн ылбытым. Күн аайы орто холуочук туруктаах ииригирбит мэйиим дуомугар син толкуй-санаа киирбитэ. Ол күнтэн ыла куска барардыы ох курдук оҥостон барбытым. Хас да ыалга ордон хаалбыт оттук мастарын, отторун ситэри соһон, тиэйэн киллэрбитим. Дьонум үгэстэринэн уһун моойдооҕунан төлөһөөрү гыналлара. Мин, дьэ кэлэн туох кистэлэ кэлиэй, ымсыыран сыҥааҕым уута сүүрдэр, испэр арыгым үөнэ кыйбаҥалаатар да, хата, сүрдээҕин туттунан, силбин быһа ыйыстан баран «уу харчытыгар» диир идэлэммитим. Ыалларым соһуйбуттуу тэрбэччи көрөллөрө, саҥата суох харчыларын ууналлара. Син харчылаһан баран оройуоҥҥа хаста да тиэстибитим. Өр кэмҥэ бултуур билиэппин уһаттарбатахпар ыстараап төлөппүттэрэ, көҥүл ылбытым уонна орпут харчыбар хас да хаа ботуруон атыыласпытым. Манна диэн эттэххэ, урут саабын атыылаан, онон арыгылаары хаста да сананан ылбыттааҕым баара. Ол эрэн, киһи эрэ буолларбын, сүрдээҕин туттуммутум. Онуоха айыыларым араҥаччылаабыттара, күүс-көмө буолбуттара диэн билигин бүк эрэллээхпин. Хас санаам мөлтөөн арыгы абылаҥар ыллараары гыннаҕым ахсын, соруйан гыммыт курдук, Арчыны көрсө түһэрим, эбэтэр кини туһунан кимнээх эрэ бэрт сылаастык санаан кэпсэтэллэрин истэрим. Оччоҕуна туох эрэ биллибэт күүс миигин түөскэ анньара, тохтоторо, умса түһүөхпүн ким эрэ өйүүргэ, өрө тардарга дылы гынара, күүс-эрчим эбэрэ. Олох бүппэтэх киһи эбиппин, Айыыларым миигиттэн киэр хайыспатахтар эбит диэн санаа киирбитэ. Ол дьикти санаа хара дьайынан туолбут тулабын тэһэ көппүтэ. Ип-итии салгына суох хостон ыраас салгыҥҥа тахсыбыт киһилии түөһүм муҥунан тыыммытым. Дьэ, кус көҥүлэ буоларын, омуммар бэрт өр кэтэспитим. Бастакы киириибэр «тэҥҥэ кустуох» диэн кучуйсан хас да буолан бииргэ барбыппыт. Биир атаһым «саха аймахха кэтэһиилээх сандал саас кэлбитинэн» уонна «кус көҥүллэммитинэн» диэн сылтахтаах үрүсээгиттэн буокка хостоон таһаарбытыгар, бу күннэр тухары түгэххэ үтэйиллибит абааһым тахсан кэлбитэ. Ол түүн олус көрүлээбиппит… Кус эрэ, туох эрэ… Сарсыныгар уһуктан, кэмсинии бөҕөтүн кэмсиммитим. Ону кытта тэҥҥэ «абырахтаныахха баара» диэн саахарга саантаабыт сахсырҕа- лыы арахсыбакка буулуур санаабыттан бэйэм бэйэбэр кыыһырбытым, абарбытым. Өссө да утуйа сытар доҕотторбун эр-биир нэһиилэ уһугуннартаан, кэм да мээнэнэн мэндээриччи көрө сылдьалларын аахсыбакка, абарбыт санаабар: «Аны миигин кучуйумаҥ! Мин аны көнө суолга турунабын. Миэхэ туорай мас буолумаҥ!» диэн хаһыы былаастаах элэ-была тылбын эппитим. Сэппин-сэбиргэлбин хомунан атын күөлгэ көспүтүм. Хас да түүн кус өлөрүөхтээҕэр буолуох дьүһүнүн да көрбөтөҕүм. Чугас эргин аныгы саалар тыастара өрө хабыллан олороро. Ону кытта араас кус саҥатын бары үкчү үтүктэр, угуйар араадьыйаларын холбоон кэбиһэллэрэ. Саҥа саа, манок ылынар кыаҕа суох киһи — мин аал уоппун оттон Баай Байанайбыттан көрдөһөр эрэ кыахтааҕым. Хаһан алгыс этэн билиэмий, көннөрү хайдах сатыырбынан иччилэрим миигин бырастыы гыналларыгар, көнө суолга турарбар күүс-уох биэрэллэригэр, дьэбэрэттэн тахсан биир олус суолталаах үктэли дабайарбар көмөлөһөллөрүгэр, көтөр кынаттаахтан куду анньан кулалларыгар көрдөспүтүм. Татьяна Поскачина-Татыйык, «Табыллыбат/табыллыбыт таптал 2» (Айар, 2022) кинигэтиттэн быһа тардан. Кинигэ «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан