Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чороонноох дьол (Кэпсээн салгыыта)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чороонноох дьол (Кэпсээн салгыыта)
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.02.2022 19:00
Вадим эр киһи буоллаҕа, киниэхэ аттыгар сибэкки кэрэ куо наада буоллаҕа, оттон Туйаана хотон сааҕар баттаппыт сайдыыга дьулуспат кыыс туохха наада буолуой? Оттон ыраас тапталлара, күннэтэ күлсэр, сиэттиһэр истиҥ сыһыаннара? Аастаҕа дии, ама дуу, элбэх да сыллар аастылар. Аны хаһан даҕаны туох даҕаны иккистээн хатыламмат. Барыта аастаҕа… Арай Туйаана бу сыллар тухары олоҕор сүтэрбит күндү киһитин ийэтин санаан кэллэҕинэ олус уйадыйара. Кинилэр Вадимныын ыал буолбат биттэрэ тардан бу буоллаҕа диэн иһигэр хомойоро. Саатар таптыыр киһититтэн оҕолооҕо буоллар. Аттыгар кыракый кыысчаан дуу, уолчаан дуу сүүрэн туораахтаныа эбит. Онуоха дьылҕа итиннэ эмиэ киниттэн көҥөммүт буоллаҕа, арааһа соҕотох сырыт диэн анаабыт буоллаҕа… Нэһилиэгэр иилэн ылан кэргэн тахсыан сөптөөх киһи суохха дылы. Арай куораттан сайын уоппускатыгар кэлэр оҕо сааһын доҕоро Дьулус элэстэнэн кэпсээн-ипсээн ааһар. Тыа сиригэр олорор хорсун Туйаананы киэн тутта хайҕаан, ардыгар киһиргэтэн барар. Дьээбэлээн фермер кыыс диэн ааттыыр. Дьулус сытыы киһи. Уол оҕото маҕаһыын арыйа охсон онно атыыһытынан Туйаананы ыҥырар. Туйаана Дьулус кэпсээн көбүөрүнньүктээн омуннуран бардаҕына холкутук истэн мүчүк эрэ гынар. Анарааҥҥыта итии чэйин сыпсырыйа олорон Туйаанаҕа араас көрдөөҕү кэпсиир. Оо, Дьулус барахсан, үс сыллааҕыта кэргэн ылыаҕыттан сайын да кэлэрэ аччаабыт курдук. Буолумуна, отутун ааһан баран ыал буолбут киһи күнэ дьиэ кэргэниттэн эрэ тахсара буолуо. Аны даачаланнахтарына төрүт да кэлиэхтэрэ суоҕа, оччоҕо хам-түм улахан үбүлүөйдэргэ эрэ көрсөрбүт буолуо. Итини санаан Туйаана сонньуйан ылла. Оҕо саас доҕоро диэн истиҥ уонна күндү да буолар эбит. Уолаттары кытта улааппыт Туйаана ханнык да дьүөгэлэринээҕэр Дьулуһу кытта быдан уопсай тыл булара. Аҕата дьээбэлээн: «Ити хаарыан уолу куоттардыҥ. Таах куораттан кэлбэт Бадьыымҥын итэҕэйэн» диэн ардыгар хомуруйар. Онуоха кыыс ардыгар күлэн кэбиһэр, буорга тэҥҥэ буккуллубут Дьулуһунуун хайдах ыал буолуой, киһи да күлүөх, субу сыбаайбалаары көрүү-истии буолуо буоллаҕа. Дьулус дьээбэлээх харахтарын санаатаҕына күлэн-үөрэн, мэниктиэх санаата киирэр. Оттон ардыгар аҕата күтүөт буолуохтаах Бадьыым албыннаабытыттан кыһыйан : «Муус угуох буолпут баара, ытыс соттон хааллыбыт» диэн сымнаҕас олбохтоох кириэһилэтигэр олорон дириҥник өрө тыыннаҕына, кыыс олус хомойон саҥата суох ытыыр. Кини ытыырын аҕата сатаан тулуйбат. Бэйэтэ да улахан сүтүктээх киһи, оҕото, сүрэҕин чопчута кыракый кыысчаана Туйааната ытаатаҕына тэҥҥэ ытаһар. Ити курдук ытаһан, өйдөһөн син олороллор. Сайын убайдара кэллэхтэринэ бары ньиргиччи оттууллар, оттон кыһын дьиэ, хотон үлэ сүпсүлгэнигэр тус олох умнуллар. Сыл-хонук өрүс сүүрүгүнүү түргэн. Ордук сааһыран истэххэ күннэр солбуһан бииртэн биир элэҥнээн ааһан иһэллэр. Оҕо саас, эдэр саас… Аны сотору аҕам саас боруога да кэтэһиннэрбэккэ кэлиэ турдаҕа. Бииргэ төрөөбүт убайдарын оҕолоро номнуо оскуоланы бүтэрдилэр. Туйаана отутун лаппа ааһан, били ыаллыы олорор эмээхсин эппитинии, төрүүр сааһын ааспыт кыыс-дьахтар буола сылдьар. Аҕата оҕонньор сэттэ уончатыгар үктэнэн, хотоҥҥо сылдьыбат. Сарсыарда оһоҕун оттон, кыыһын сылаас чэйинэн да көрсөрө үөрүү. Туйаана муунтуйбут санаатын киэһэ тэлэбиисэр эбэтэр төлөпүөнүгэр инстаграм сирэйин көрөн аралдьытар. Кини ити түннүккэ бииргэ үөрэммит оҕолорун, устудьуон доҕотторун олохторун, тугунан тыынан олороллорун көрөр уонна ардыгар ымсыырар. Кини тэҥҥэ улааппыт оҕолоро атын планетаҕа олорор курдуктар. Ресторан, киинэ, оруоса букета, тас дойду онтон да атын сэргэх араас тэрээһин. Арай кини олоҕо судургу. Дьиэтэ, үлэтэ уонна хотон. Сарсыарда оһох оттуллан таһыргыыр тыаһыттан уһуктар. Аҕата оҕонньор чэйин оргута ууран баран таһырдьа тахсыбыт. Араадьыйа тыаһыыр… Нэһиилэ төбөтүн өндөтөн, урут оскуолаҕа үөрэнэ барарын санаан ылбыта. Оччолорго чэпчэкитик турара, тоҕо диэтэххэ инникигэ, олох сырдык аартыгар эрэллээҕэ эбээт. Эрэл баар эбит олоххо, киһиэхэ күүс-сэниэ эбэр, кини күннэтэ оҥорор үлэтин үтүөтэ барыта Вадимныын ситимнээҕэ. Төһө да сүтэрсибиттэрэ ырааппытын иһин баҕар, баҕар тиийэн кэлиэ диэн бэйэтин да көрүнэрэ, хамнаһа кэллэҕинэ мааны таҥас-сап ылан киэргэнэрэ. Барыта халтайга, халтайга…Бу уонча сыл устата кини Вадимы маныыр, кини олоҕунан олорор буолбута. Ханна сылдьыбыттарын, тугу аһаабыттарын барытын маныыр. Иһигэр ымсыыра саныыр. Арай ити урут Вадим кинини куоракка ыҥырбытыгар баран хаалымна сыыстарда дуу. Аны антах тиийбитэ буоллар аҕатын санаан суобаһа оонньоон сүгүн олорбот. Аҕата саахар да манньаҕа куоракка көспөт. Онон куоттарбыт тапталын төлөпүөн өстүөкүлэтин нөҥүө маныыр эрэ буоллаҕа. Бэйэтин туох эрэ уоруйах дуу, үспүйүөн дуу курдук сананар буолбута. Туйаана ити курдук күннэтэ үлэтиттэн кэлэн, дьиэ-уот, хотон үлэтин үмүрүтэн киэһэ чуумпуга холкутук төлөпүөнү ылан сытар кэмин туохтааҕар да күндүргэтэр буолбута. Урут син кинигэ ылан ааҕар, отчуоттарын бэрэбиэркэлиир эбит буоллаҕына, кэлин ол барыта хаалбыта. Кини урут бастаан үлэлии кэлэрин саҕана сааһыран эрэр бэйэлэрин көрүммэт, ортолорунан уойан ону кистии да сатаабат буолбут дьахталлары көрдөҕүнэ, иһигэр сиилии саныыра. Сүрэҕэ суохтарыттан, олоххо тардыспаттарыттан көрүммэттэр дии саныыра. Онто бэйэтэ оннукка тиийэрэ чугаһаабыт курдук. Кини ити хаачыстыбаны бэйэтигэр соһуччу өйдөөн көрбүтэ, үлэтигэр нэдиэлэ устата биир сиэрэй көстүүмүнэн сылдьыбытыттан олус соһуйбута. Кини Вадим кэрэ кэргэнин, утуу-субуу төрөөбүт оҕолорун интэриниэт ситимин нөҥүө көрөн бэйэтин олус сэнэнэрэ, ынах сааҕар, хотоҥҥо баттатан олороруттан иһигэр кыбыста саныыра. Урут улахан мунньахтарга куоракка барарын наһаа күүтэрэ. Баҕар онно тиийэн кинини көрсүөм диэн оҕолуу ыраас баҕа санаалааҕа. Билигин сааһыран истэҕин ахсын итини ыарырҕатар. Ол кэриэтин киэһэтин үүттээх чэйин иһэн баран тэлэбиисэр көрбүтэ көнө курдук. Биир күн оройуон киинигэр үлэтинэн киирбитэ. Ырыынакка сылдьан ол-бу кыра наадаларын атыыласпыта. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар сылдьан ынахтарын ыспыраапкатын туттараары көрүдүөр уһугар турар остуолга суумкатын ууран хасыһа турдаҕына, «Туйаана, туналыйар Туйаана Сергеевна” диэн бэрт дьээбэлээх саҥаны истэн эргиллэ биэрбитэ. Итинник кинини оҕо эрдэҕиттэн Дьулус эрэ дьэбэлиирэ,. — Дьулус, хайыы, дойдугар кэлэн баран биллибэтэххин, — диэн хата соһуйан таалан турбакка, утары ыйыта тоһуйда. Ахтыспыт, өр көрсүспэтэх доҕоттор ыга куустуһан ыллылар. — Дьэ, доҕор, дойдубар кэлэн бу сылгынан дьарыктанаары социальнай хантараакка киирсээри ыйыталаһа сылдьабын… — Манна көһөн кэллигит дуо, оччоҕо биһиэхэ Хомустаахха тахсаҕыт дуо, эбэтэр манна улуус киинигэр хаалаҕыт дуу… кыыс истибититтэн олус үөрэн үрүт үөһэ ыйытта. – Тоҕо тута биллибэтиҥ. Кэм кистии сылдьыбыт ээ Дьулус! , — диэн быыһыгар хомуруйан ылбыта. Хомустаахха, Туйаана, эйиэхэ сюрприз оҥороору кэпсээбэтэҕим, дьиҥэ сүрүн фермер киһиэхэ эйиэхэ кэпсиэхтээх, сүбэлэтиэхтээх эбиппин. – диэн дьээбэлэнэн ылла. Фермер буолан, быйыл биэс эрэ ынах ыатар, сааһыраммын сылайабын, сорох ынахтары убайым аахха биэриэхтээхпит… — Ама сааһырдахпытый, көр ээ миигин, доҕоруҥ олоҕун уларыта сылдьар, антах маҕаһыыммын сабан аны дойдубар олохсуйуох санаа баар. Манна эмиэ кыра маҕаһыын аһар былааннаахпын. Туйаана, былаан элбэх, наллаан олорон кэпсиэм. — Дьоҥҥун көһөрөн аҕаллыҥ дуо. Дьэ, ийэҥ аах үөрэр буолбуттар, кырдьаҕастары көрбөтөх да ыраатта. Ээ, бэйэм кэллим… , — Дьулус кулук-халык туттан умса көрөн ылла. Ама Туйаана Дьулуһу билбэт буолуо дуо, доҕоро тугу эрэ кистиирин сэрэйэн: — Арахсан кэллим диэмэ Дьулус, олоҕунан оонньооботтор, — кыыс кытаанах соҕустук көрүтэлээтэ. — Мөҕөрүҥ буолуо… арахсыбыппыт сылтан орто ээ, дьиҥэ. Оҕобут эҥин суох онон туох уустуга кэлиэй, тахсан бардаҕым дии…Дайаана бэйэтэ уол оҕолооҕо дии… — Аата хобдоҕун Дьулус, сыбаайбаҕар таах эҕэрдэ ырыа ыллааммын, — Туйаана кубу-дьиби буолла. — Хайыахпытый, аны эн сыбаайбаҕар иэскин төлөөн икки ырыаны ыллаан доргутуом, — диэн дьээбэлэнэн ылла. — Хата Туйаана миигин кытта тахсыһаар, таксины манаһан ырыынакка таах сылдьыан дуо. Мин бэйэм массыынабынан кэлбитим ээ.Бу билигин атын докумуоннарга сүүрэ бардым. Нүөмэрбин билэҕин эрийээр, кэлэн ылыаҕым, — диэн баран уол элэс гыммыта. Оо, Дьулус, Дьулус. Тоҕо арахсар эрээри холбоһоллоро буолла? Оттон биһиги холбоспокко да сылдьан Вадимныын арахсыбыппыт. Чэ, Дьулус сытыы уол, тугу эрэ толкуйдаабыт буоллаҕына булан дьыалатын ыпсарар. Маҕаһыын арыйдаҕына отчуотугар киһини сордуура буолуо, — диэн иһигэр доҕорун хомуруйа саныы-саныы тустаах кабинетын диэки хаампыта. Ол эрээри доҕоро Дьулус кэлиэҕиттэн Туйаана олоҕо биллэ сэргэхсийбитэ. Киэһэ ахсын Дьулус Туйаанаҕа эбэтэр Туйаана Дьулустаахха тиийэн сэлэһэллэр, ардыгар уол кыыска ынахтарын уулатан, хара үлэҕэ көмөлөһөн абырыыр. Ол тухары Дьулус дьээбэтэ бүппэт. Оскуола сааһыттан уларыйбатах да курдук, олоҕу ылынара чэпчэкитин. Аата, кини курдук буолбут киһи. Ардыгар иһигэр Туйаана Дьулуска ымсыыра саныыр. Оттон кини буоллаҕына барытын ыараҥнатан, уустугурдан. Оннук ыараҥната сылдьан олоҕун үтүөтүн хотоҥҥо бараата. Оттон доҕоро дойдутугар кэлээт үс биэни атыылаһан, үлэһит наймылаһан аны маҕаһыын аһаары сүпсүгүрэр. Туйаана доҕоругар маҕаһыын долбуурдарын кырааскалаһар, эргэ пуочта дьиэтин куортамнаабыттарын сууйарга-соторго көмөлөһөр. Инньэ гынан кыһыҥҥы уһун киэһэлэрэ биллибэккэ элэстэнэн эрэллэр. Бэйэтэ да билбэтинэн аны киэһэтин Вадимнааҕы маныырын тохтоппута, улаханнык инстаграм да ситимэ кинини умсугуппат буолбутун дьиктиргии санаабыта. Дьэ, ол кэриэтин Дьулуһугар тахсан сэлэһэр, биисинэс-былаан оҥосторугар сүбэ-ама, сурук да үлэтигэр улаханы көмөлөһөр. Нэһилиэк дьоно Дьулуска «Ыал буолан эрэҕит дуо”, — диэн хаадьылыыллар. Ол эрээри үгүстэр бу дьон оҕо эрдэхтэриттэн истиҥ доҕордуу буолалларын итэҕэйэллэр, кытаанах майгылаах, аҕыйах саҥалаах Туйаанаттан толлоллор. Дьулус көһөн кэлбитэ ый кэриҥэ буолла. Нэһилиэккэ баар кылааһынньык уолаттар, кыргыттартан Туйаана бары саба түһэн маҕаһыын ис бараанын өрөмүөннээн бүтэрдилэр. Туйаана киэһээҥҥи аһылык кэнниттэн өрө көтөҕүллэн начаас икки ардыгар сүөһүлэрин көрө охсоот Дьулуска көмөлөһө барар. Ыкса киэһэ доҕорунаан аргыстаһан кэлэллэр. Бэҕэһээ Дьулус урукку оҕо эрдэҕинээҕитин курдук Туйаана үрдүгэр тиит хаарын тэбээн соһуппута. Дьээбэлэммэккэ сылдьыа дуо, хата Туйаана олус сэргэхсийдэ. Бүгүн баар долбууру барытын дьаарыстаан дьэ, сууйуу-сотуу үлэтин саба туттулар. -Айуу, бүгүн улахан кыайыы Дьулус, эксплуатация женского труда диэн манныгы эттэхтэрэ, — диэн доҕорун хаадьылаан ылла. —Дьиэлиэх Дьулус, аҕам кэтэстэҕэ. Бээ, мантан киэһэ отчуоттарым эҥин. Дьулус саҥата суох инструменнарын бэрийдэ онтон тохтоон чочумча саҥата суох туран баран: — Дьиэлиэх… диэн бүтэҥи соҕустук саҥарда. Кини кыһаан сирэйэ уратытык боччумурбут. Кини Туйаана диэки хайыһан туран соһуччу : — Арай бииргэ олорор буолуох Туйаана?, — диэн уруккутун курдук дьээбэлэммэккэ, доҕорун диэки дириҥ киэҥ харахтарынан утары көрдө. Хараҕын куоттара да соруммата. Кини улахан наадалааҕы этээри гыннаҕынна итинник боччумурар. Онтон атыҥҥа кини харахтара өрүү дьээбэлээх кыымнарынан саҕыллан куруук мичээрдии сылдьар курдук. Туйаана соһуйан, ах баран утары көрдө, онтон били соһуйбута ааһан күлэн кэбистэ. Ол эрээри ити күлүүтэ олус сатамньыта суохтук таҕыста. — Дьиэлиэх… Кыһыҥҥы киэһэ. Уруккуттан хаамар оҕо саастарын ыллыктарын устун уруккуларын курдук былдьаһа-былдьаһа кэпсэппэккэ, тоҕо эрэ саҥата суох хаамтылар. Ол эрээри уруккуларын курдук тоҥолохторуттан тутуһан, өйөһөн иһэллэр. Ол эрээри Туйаана өттүттэн күүрүү баар, уол санаатыгар кыыс уларыйан хаалбыт курдук, тоҕо эрэ саҥарбат. — Таах да айахтатан дии Туйаана, — диэн эмискэ тыҥаабыт чуумпуну үргүтэн Дьулус төлө биэрдэ. — Тугу этэҕин, — Туйаана тохтоон ылла. Кини кырыарбыт кыламаннара, бэргэһэтин быыһынан быкпыт уһун суһуоҕа кыһыҥҥы ый толбонугар ураты да буолан көһүннэ. Хайдах урут эдэр сылдьан Дьулус маны өйдөөн көрбөтөҕө буолуой, төһөлөөх бу суолунан аргыстаһан хаампыттарай. Уол иһигэр бу көһөн кэлиэҕиттэн Туйаананы саныыр буолбутун куоттара сатыыра. Тоҕо эрэ кини дойдутугар бу көһөн кэлэн баран Туйаананы кыыс-дьахтар быһыытынан дьэ, бэлиэтии көрбүтэ. Ол эрээри ити санаатын кичэллээхтик кистээбитэ. Иккиэн да эдэр оҕолор буолбатахтар. Тугу эмит сыыһа-халты тутуннаҕына, көнө киһи Туйаана өйдөөмүөн сөбө… Оччотугар хаарыан доҕоруттан ытыс соттон хаалар кутталлааҕа. Кини мааҕыан саҥарбыт тылын Туйаана туох дии санаабыта буолуой…. Утарыта көрсүһэн турдулар. Туйаана тугу да саҥарбакка, доҕоро мааҕыан оонньоон эппитин дуу, дьиҥнээҕи эппитин дуу билээри иһиллээн, иһийэн турда. Кини Дьулус дойдутугар кэлиэҕиттэн олоҕо сырдыырга дылы буолбута, ол эрээри иһигэр үөскүөхчэ буолбут истиҥ, атын иэйиини саба баттыыра. Аны биллэн хаалан доҕордуу сыһыаны алдьатыам диэн сэрэх киһи кини куттаммыта. Оттон Дьулус тугу саныыра буолуой… Кырыа буолбут кыламаннар, өйдөһөр харахтар… — Арай бииргэ олорор буолуох Туйаана… — Доҕордоох туох куһаҕаннаах үһүө… Дьулус кырыалаах кыламаннарынан сапсынар кыыһы ыга кууһан ылбыта. Бу кууһуу доҕордуу эрэ буолбакка, истиҥ, нарын иэйии кинилэр сүрэхтэрин толорбутун туоһулуура. Кыһыҥҥы киэһэ икки сүрэх тэбиитэ эрэ иһиллэргэ дылыта… Ульяна ЗАХАРОВА. Олунньу 2 күнэ, 2021 сыл.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан