Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түүҥҥү ыалдьыттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түүҥҥү ыалдьыттар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
21.01.2021 13:15
Мин эһэм учуутал идэлээх. Оскуолаҕа түөрт уонча сыл тохтоло суох үлэлээбитэ. Кини устудьуоннуу сылдьан биир бэрт дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турардаах. Ол туһунан миэхэ кэлин, кырдьан олорон кэпсээбитэ. Хомойуох иһин, кэпсээнин бу баар курдук өйдөөбөппүн эрээри, оччолорго төбөм тугу тутан хаалбытын кэпсээн көрүүм. «Дьокуускай оччолорго билиҥҥитин курдук киэҥ-куоҥ, килэйбит-халайбыт улахан таас дьиэлэрэ суох этэ. Этэргэ дылы, куорат саҥа тутуллан киэркэйэн эрэрэ. Мин, куорат сиргэ туох да уруута-аймаҕа суох киһи, өөр да өр көрдөөн, көрдөһөн, куорат кытыытыгар Балбаара уонна Ньукулай диэн оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьукаах буолбутум. Хата, дьонум бэрт судургу, көнө ыал буолан бэркэ табыллыбытым. Бэйэм да чуумпу, элэккэй буоламмын, оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ сөбүлэтэн, итэҕэйэр киһилэрэ буолбутум. Арай туран, биир киэһэ дьонум ыалга бардылар. Миэхэ тахсан бараары туран: «Дьөгүөр, биһиги доҕотторбутугар бардыбыт. Арааһа, киэһэ хойутуурбут буолуо. Эн биһиги бардахпытына, ааҥҥын хатанаар уонна биһигини күүппэккэ бэйэҥ чэйдээн баран сытаар. Ааҥҥын кимиэхэ да мээнэ аһыма», – диэтилэр. Мин «сөп» эрэ диэтим. Дьонум тахсан барбыттарын кэннэ тугу гыныахпыный, бириэмэ да ыраатан эрэрэ. Онон ороммор сытан кыраһыын уотунан кыратык кинигэ аахтым, ол кэннэ нухарыйан, халтаһам ыараан, утуйан киирэн бардым. Арай түүн үөһүн саҕана ааммын ким эрэ кэлэн дибдийэн эрэриттэн уһугуннум. Хайдах эрэ "оҕонньордоох эмээхсин өр тоҥсуйан, кыыһыран эрдэхтэрэ буолуо” дии санаатым. Ол курдук, ама, хайаан истибэтэх буоллахпыный дии-дии, ааҥҥа чугаһаан кэлэн, сэрэххэ, «кимий?» диэн ыйыттым. Аан анараа өттүттэн билбэт куолаһым: «Биһиги-биһиги. Чэ, кытаат, ааҥҥын аһа оҕус!» – диэн күргүйдээн эрэрдии саҥарда. Мин тоҕо эрэ иэним кэдэҥнээн ылла. «Кимнээххитий?» – диэн иккистээн ыйыттым. «Эн, арааһа, Дьөгүөр быһыылааххын. Биһиги Ньукулайдаахха кэлбиппит», – диэн, бу сырыыга холкутук хардардылар. Ньукулай аатын истэн, мин хайдах эрэ холкутуйа санаан, ааммын аһан биэрдим уонна кэлин онтубуттан улаханнык кэмсиммитим. Ааммын аһааппын кытта бэйэбиттэн биирдии төбө улахан уҥуохтаах икки киһи дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр. Ыарахан саппыкыларын тыаһа мас муостаҕа лиһиргээн олорор. Киирэн тула холоруктуу сылдьан дьиэ иһин чүүччэйэн көрдүлэр. Биирдэрэ илиитигэр сүгэ уонна үрүсээк тутуурдаах, оттон биирдэрэ күрдьэхтээх. Мин уолуйан хаалан, тугу да саҥарбакка даллайан туран хааллым. Онтон илиитигэр сүгэлээҕэ кэннибиттэн кэлэн, сүгэтин эҥил баспар тирээн туран, сөҥ куолаһынан «бардыбыт» диэн дьаһайда. Мин нэһиилэ дьиэттэн тахсан иһэн аан таһыгар көхөҕө ыйанан турбут халтаҥ соммун эрэ харбаан хааллым. Таһырдьа тахсан "хайдах буолабын?” диэн уҥа-хаҥас көрө турдахпына, эмиэ били киһи: «Ити ыллыгынан баран ис. Куотан баҕалаан көрөөр эрэ. Сонно дьаһайан кэбиһиэхпит», – диэтэ. Бастаан утаа хайдах эрэ тугу соруйалларын тугу да санаабакка, оннооҕор куттаммакка толорон истим. Ити курдук саҥата суох балайда хаампахтаан тыа саҕатыгар тиийиибит саҕана, утуйа сытан уһуктубут курдук, туохха-туохха түбэспиппин, дьэ өйдөөтүм. Онтон эр санаабын
киллэрэн, тохтоон эргиллэ биэрдим: «Кимнээхтэргитий, эһиги? Миигин ханна илдьэ бардыгыт?» – диэн ыйыттым. Онуоха эмиэ били киһим хайдах эрэ ыксаабыт курдук куолаһынан: «Чэ-чэ, үгүһү ыйытыма. Сотору ыытыахпыт. Оттон куотар эбэтэр ол-бу араас буолар түгэҥҥэр бэйэҕиттэн-бэйэҥ кэмсинээр. Чэ, бу тыа анараа өттүгэр тиийэн тохтуохпут. Биир дьыала баар», – диэн баран, эмиэ саҥата суох барда. Быстыам дуу, ойдуом дуу, соруйбуттарын курдук ыллык суолбунан тыаҕа киирэн инним диэки баран истим. Тыа саҕатыгар чугаһаан иһэн ханна баран иһэрбитин тута өйдөөтүм – дьон уҥуоҕар! Дьон уҥуоҕар тиийэрбит саҕана күрдьэх тутуурдаахтара иннибэр киирдэ уонна "батыс” диэн баран, охсуу ампаардар быыстарынан эрийэ-буруйа баран истэ. Мин бу түгэҥҥэ кутум адьас көппүтэ. Төбөбөр биир кэм "өлөр киһи буоллум” диэн санаа элэҥниирэ. Өр-өтөр буолбатыбыт. Буора саҥа кутуллан томтойо сытар иин үрдүгэр кэлэн тохтоотубут. Бу тухары мин тугу гына барсан иһэрбин эппэттэр, бэйэм да билбэппин. Кэлээт, тута атаҕым анныгар күрдьэх быраҕан биэрдилэр уонна иккиэн бииргэ "хас” диэтилэр. Мин араастаан батына сатаатым да, туох да туһа тахсыбата. Онтон кэлин тиһэҕэр "өлүөм кэриэтэ...” диэн баран, түһүнэн кэбистим. Саҥа көмүллүбүт буолан буора көпсөркөй эбит. Сотору буолан баран күрдьэҕим иин тас сабыытыгар иҥиннэ. Эмиэ модьуйан хаптаһыннарын ыллардылар. Онтон туран, хоруобу ас диэн дьаһайдылар. Мин ол аайы этим тардар да – хайыахпыный. Күн сирэ күндү буоллаҕа эбээт! Хоруобу аһа биэрбитим – аҕыйах хонуктааҕыта өлбүт, толору киэргэллээх саха эмээхсинэ сытар эбит. Оо, онно куйахам күүрбүтүөн! Кутталбыттан барыах-кэлиэх сирбин булбакка турдахпына, "киэргэлин-симэҕин хомуй” диэтилэр. Илин-кэлин кэбиһэрдэрин, бөҕөхтөрүн, ытарҕатын, биһилэхтэрин – барытын устан ылан үөһэ турар дьоммор ууннум. Онтон биирэ: "Хайа, оттон ити ортоку тарбаҕыттан биһилэҕин тоҕо устубатыҥ? Уста тарт!” —диэн күргүйдээтэ. Быстыам дуу, ойдуом дуу, эмиэ араастаан тардыалаан көрдүм да кэлбэтэ. Оттон кэлбэтэ диэбиппэр "тиискинэн түс” диэтилэр. Букатын саҥата суох бардым. Тыыным кылгаата, сүрэҕим тэбиитэ букатын биир, биэс, уон төгүл түргэтээтэ, оттон кулгаахпын биир кэм "туҥ, туҥ, туҥ” диэн туох эрэ охсор... Уһуктан кэллим. Ийэ-хара көлөһүнүм сарт түспүт. Сүрэҕим букатын айахпынан тахсан барыах айылаах буолбут. Оттон, били, кулгаахпар охсуллар тыас – аан тыаһа эбит. Арай ааммын аһаары ойон туран истэхпинэ, тарбаҕым аһый гына түстэ. Көрбүтүм – тимир орон куруһуунатыгар кыбыллан, көҕөрөн тахсыбыт эбит. Нэһиилэ ороон ыллым. Тиийэн ааммын аспытым, оҕонньордоох эмээхсин кэлбиттэр. Ааммын аспатахпар ол-бу буолан хааллаҕа дуу диэн дэлби куттаммыттар этэ. Кэлин сааһыран да баран итинник иччилээх түүлү түһээбэтэҕим. Бу – хайдах эрэ ураты түүл этэ. Олох дьиҥнээх курдуга”, – диэн эһэм кэпсээнин түмүктээбитэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан