Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос

Главная / Кэпсээннэр / Хараҥа хос

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 11:03
4k 32

Содержание

Альтернативное описание изображения темы

Кистэлэҥим

Бу түгэни хаһан да кимиэхэ да быктарбатаҕым. Ол кэмҥэ көрбүппүн да, истибиппин даҕаны маҥнай бэйэм итэҕэйбэтэҕим. «Сибиэннээх, абааһылаах» кэпсээннэртэн олус куттанарым, биир өттүнэн, учуонай буолан эмиэ да итэҕэйбэт этим. Ол эрээри… чэ, айбыт таҥара бэйэтэ билэр.
 
 

   Үлэбин-үөрэхпин суруйаары, кыратык сынньанаары уоппуска ыллым. Уоппускам быыһыгар чинчийэр үлэбин суруйар былааннааҕым. Ол курдук, атын сиргэ көттүм (сирин аатын этэрбин туттуннум). Бэйэм көҥүллүк сылдьаары хос уһуллум. Олус чэпчэки буолан, «бэрт, харчыбын харыстаатым» диэн испэр үөрэ санаабытым. 
   Ыраахтан хайалар көстөллөр, истиэп – хартыына курдук көстүүлээҕэ. Хата, маннык кэрэ айылҕаҕа киһи иэйиитэ уһуктар эбит. Түүн да, күнүс да буоллун үлэлээтим. Саатар ардахтаах кэмҥэ түбэспиппин, таһырдьа соччо-бачча быкпатым. Биир нэдиэлэ иэйиибэр киирэн хаалан, түүл-бит курдук сырыттым. Ол тухары ардах тохтообокко түһэр.
   Сынньаммакка, сүгүн утуйбакка, тиэкис бэчээттээн хараҕым ыарыйда, ачыкыбын остуолга уураат, дьыбааҥҥа налыйан олордум. Ардах түһэрин көрө сытан, санаабар баттатан, нухарыйан киирэн бардым…
   Арай түүлүм быыһынан көрдөхпүнэ, уһун, сырдык халадаай былаачыйалаах кыыс киирэн кэлээт, олоппоско олорунан кэбистэ уонна тугу эрэ суруйан киирэн барда. Мин соһуйан, тура сатыыбын да этим-сииним хамсаабат, хаһыытыы сатыыбын да саҥам тахсыбат. Кыыс хара хойуу баттахтаах, сырдык мөссүөннээх. Эмискэ, туохтан эрэ хомойон, ытаан барда. Сурук суруйа сатыыр, онтон кумааҕытын кумалаат тиэрэ түһээт, олоппоһун биэтэҥнэтэн киирэн барда. Барыта илэ курдук, ардах эмиэ түһэрин курдук түһэ турар. Мин куттаммыт санаам ааспат. Этим-сииним баата курдук, саҥа таһаара сатыыбын даҕаны, ыт курдук ыйылыыбын эрэ. Аны кыыс саҥа таһааран ытаата, онтон тыастаахтык хааман тахсан баран хаалла.
   Эмискэ хаһыытаан аҕай туран кэллим. Били, кумаламмыт кумааҕы, хата, суох. Олоппос биэтэҥнии турар этэ… Этим-хааным тымныйаат, таһырдьа ыстанным. «Аһара үлэлээн иирдим дуу» дии саныы таһырдьа син өр турдум. Ардах курулаччы түһэр, ибили сытыйдым. Ыксаан ыалбын тоҥсуйдум. Аан аһыллыбыта – нууччалар. Соһуйдулар аҕай, дьиэлэригэр киллэрдилэр. Чэй иһэ олорон, туох буолбутун кэпсээн биэрдим. «Иирбит» диэхтэрэ диэн «түүлбэр» диэн саҕалаан кэпсээбитим. Ону нуучча оҕонньоро: «Бу дьиэ былыргы. Устуоруйаҕа сурулларынан, ити хоско, соҕотох кыыстаах сэниэ ыал олорбут. Кыыстара таптыыр уолун кытта этиһэн-иирсэн, дьиэтиттэн ханна эрэ күрээбит, ол кэннэ булбатахтар үһү. Арааһа өрүскэ ыстаннаҕа…», – диэн кэпсээтэ.
   Ити кэннэ соҕотох тахсар санаам суох этэ. Оҕонньору кытта хоспор тахсыбыппыт, малбын хомунаат, тута чэпчэки сыаналаах, биир миэстэлээх хостелга көспүтүм.
   Киһи арааска да түбэһэр, ким эмэ, баҕар, мин курдук иччилээх түүлү көрбүтэ буолаарай?
Алена.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 11:04

Киһи күлүгэ

Бу түбэлтэ 2012 сыллааха буолбута. Мин Дьокуускай куоракка аймахтарбар күүлэйдии тиийдим, дьиэлэрэ икки этээстээх квартира. Арай ол күн эдьиийбин кытта маҕаһыынна тахсаары гынныбыт, иккис этээскэ танна таҕыстым. Эдьиийим хоһугар киирдим, көрбүтүм туумба сиэркилэтин иннигэр таҥаралары кэчигэрэччи уурталаабыт. Муодарҕаатым аҕай, ыраатта уурбат этэ, бу да сиэркилэ суох этэ. Хомунан баран аллараа түһэн истим, арай утары хос аана кыратык аһаҕас этэ, ол быыһынан элэс гынан киһи күлүгүн көрөн ыллым. Эр киһи курдук этэ, убайбыт дии санааммын олох наадайбатым. Кини түннүк аттыгар туран тугу эрэ одуулуу турара. Дьиэттэн таҕыстыбыт, эдьиийбиттэн сиэркилэ туһунан ыйытар санааланным, тоҕо таҥаралары уурталаабытын. Адьас ити сиэркилэни сөбүлээбэт эбит, наар кими эрэ көрөбүн диир, онтон киэһэ утуйарыгар сиэркилэни таҥас сабыытынан бүрүйэн кэбиһэр. Эчи кутталын диэн саҥата суох хааллым.
Маҕаһыынтан төннөн иһэн убайбытын көрүстүбүт, “ханна баран кэллин " - диэн ыйыттым, киһим соһуйбуттуу мин диэки көрдө, “ханна да баран кэлбэтим, табаарыспыттан саҥа иһэбин”.(маҕаһыыммыт чугас турара.) Дьиибэргээтим, “оччоҕуна кими көрдөхпүнүй хоско” дии санаатым.
Хараҕым иирбит диэн кимиэхэ да эппэтим, оннук гынан умнуллан хаалла.
Элбэх бириэмэ ааспытын кэннэ, ийэбэр эдьиийим куттуурун кэпсээтим, дьиэбитигэр ким эрэ баар, аан кэннигэр ким эрэ турар, ыскаап ааныттан ким эрэ өҥөйөр, үөһэ ким эрэ хаамар диэн сырыы аайы киһини кыра эрдэхпиттэн куттуура. ( Дьээбэлиир диэн болҕомтобун уурбат этим). Ону истэн ийэм соһуйбата даҕаны, “эйиэхэ эмиэ инник кэпсиир этэ дуо” диэн ыйыттым?.“суох, ол гынан баран мин көрбүтүм уонна истибитим ити дьиэҕэ туох эрэ баарын”. Олох урут уруккаттан ити дьиэҕэ утуйа сытар киһи түүлүгэр баттата баттата тыынын хаайтарар үһү. Түүллэригэр хара буруо уонна хара куоска буолан көстөр. Куоска түөстэригэр кэлэн олорунан кэбиһэр, онон киһи тыынын хаайтаран барар. Онтон 3-4 сыл аннараа өттүгэр ийэм түүн утуйа сыттаҕына уот холбуулларын тыһыттан уһуктан баран манаан кэтэспит, ким утуйбакка хаама сылдьарын. Киһи хаамара иһиллибэт, арай хос аана бэйэтэ сабыллан хаалла уонна уот араҕыста. Уу чуумпу буолла. Онтон ол эдьиийим дьонноругар кэпсииринэн киэһэ аайы атаҕар киһи кэлэн олорунан кэбиһэр үһү. Ийэм кэпсээннэрин истэн саҥата суох олордум, хараҕым иирбэтэх эбит, испэр, мин киһи күлүгүн көрбүппүн, хара дьай. Ити кэнниттэн хонордуу тиийэ иликпин.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 11:10

Иччи баар эбит

Бу түбэлтэ 70-с сыллар ортолоругар буолбута. Ол сыл хаара суох ичигэс күннэр турбуттара. Мин ити кэмҥэ ороуон сэбиэтигэр гражданскай оборуона начаалынньыгынан үлэлиир этим.
Оройуон биир улахан тэрилтэтин үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн баран, бэһиэ буолан Ньурбачаан нэһилиэгин сиригэр куобахтыы барарга быһаарыммыппыт. Үлэ бүтэһик күнүгэр аһыыр аспытын, балааккабытын, сэппитин-сэбиргэлбитин оҥостон ЛУАЗ массыынанан икки хоно диэн айаннаатыбыт.
Икки чаас кэриҥэ айаннаан Коойтон диэн сайылык ферма таһыгар, үөһэ соҕус өтөҕү булан түһүүлэнэргэ быһаарынныбыт. Манна биир сэнэх соҕус, түннүктэрэ салапаанынан бүрүллүбүт дьиэ баар эбит. Бултуу, сынньана кэлбит дьон быһыытынан ас-астанан, хонор сирбитин оҥостон бардыбыт. Аҕа саастаах аксакаалбыт Тиэхээн «уолаттар, бу киэһэ тоҥороору гынна, хаардыан да сөп, онон балааккабытын дьиэ иһигэр хаххаҕа туруоруоҕуҥ» диэтэ.
Биһиги дьиэ иһигэр от тэлгээн баран балааккабытын туруоран кэбистибит. Аспыт буһуор диэри чугастааҕы сири-уоту кэрийдибит, былыргы киһи уҥуоҕа бааллараын сонурҕаан көрдүбүт. Чэйбит оргуйбутугар айылҕаҕа тахсыбыт дьон сэиринэн, уоппутун аһатан, бэйэбит даҕаны сөп соҕустук аһаан баран утуйдубут. Бастакы түүммүт этэҥҥэ ааста. Сарсыныгар тыаны кэрийэн иккилии куобаҕы өлөрдүбүт.
Киэһээҥҥи аһылыкпытын аһаан баран утуйаары оҥостон эрдэхпитинэ Ньурбачаан уолаттара кэлэн аастылар. Балаакабыт иһигэр бары кэккэлэһэ сытан утуйабыт. Мин таспар кытыыга Баһылай, ортоку Ньукулай, онтон Тиэхээн, биир кытыыга Сааска сыталлар. Мин сытаат да утуйан хааллым. Түүн ортотун саҕана Ньукулай миигин анньыалаан уһугуннарда «Уйбаан, истиий, ким эрэ сылдьар!» Өйдөөн истибитим, дьиэбит иһигэр ким эрэ хаама сылдьар, таһырдьа киирэр-тахсар, ааны күүскэ лип гына сабар. Мин били маарыын ааспыт Ньурбачаан уолаттара төннөн кэллэхтэрэ дуу дии санаатым, сааларбытын тыытыахтара диэн «кимнээххитий!» диэн хаһыытаан көрдүм да хоруй суох. Сааларабыт, кырдьык, таска тураллар. Ол да буолар мин куттаары «кимнээххитий? Саанан ытыам!» диэн өссө төгүл хаһыытаатым. Арай, кытыыга сытар Сааска, балаакка хаһаайына, «Уйбаан, ытыма, балаакканы алдьатыаҥ» диэтэ. Бары туран балааккабытыттан оронон таҕыстыбыт. Ким да суох. Таһырдьа таҕыстыбыт. Кыраһа хаар түспүт эбит. Дьиэ таһыгар туох да суол-иис суох. Быһаарсыбыппыт, дьиэ иһигэр тыас баарын, аан аһылларын-сабылларын икки кытыыга сытар табаарыстарбыт истибэтэхтэр эбит. Бу сырыыга сааларбытын балаакка иһигэр, атахпыт таһыгар уурталаан утуйдубут. Хас чаас саҕана эбитэ буолла, эмиэ Ньукулай анньыалыырыттан уһугуннум. Били «киһибит» эмиэ дьиэ иһигэр киирэн хаамыталыы сылдьар эбит. Куолутунан, ааны аһар-сабар. Онтон бэтэрээ кэлэн муннукка турда, остуол таһыгар туран уҥуоҕу ыстаан хачыгыратар тыаһа иһилиннэ. Биһиги бары саҥата суох иһиллээн сыттыбыт. Сотору балаакка таһыгар сылдьар «дьукаахпыт» кырдьаҕас баҕайы киһилии куолаһынан сөтөлүннэ, куһаҕан баҕайытык «өөх» диэн баран били балааккабыт хаһаайына Сааска сытар сирин диэки силлээтэ… Бу сырыыга Сааска балааккатын харыһыйбата, «Уйбаан, ыт! Ыт!» диэн хаһыытаата.
Биһиги бары ойон турдубут, балааккабытын сиҥнэрэ сыһан таска ыстаҥалаһан таҕыстыбыт. Тахсан көрбүппүт – ким да суох. Дьиэ таһыгар тахсан көрбүппүт, эмиэ ким да биллибэт. Бары да куттана санаатыбыт.
Сааска уот отто-отто таһырдьа хонуохха диэтэ да, ким да сөбүлэспэтэ. Халлаан тымныыта бэрт этэ. Төттөрү киирэн, балааккабыт иһигэр чүмэчи уматтан сыттыбыт.
Сарсыарда куобахтыы сылдьар саааларын тыастарыттан биирдэ уһуктубуппут. Халлаан сырдыгар дьиэбит иһин сирийэн көрдүбүт. Хас муннук аайы доруобунньук суоллара бөҕө эбит. Биһиги да иннибитинэ дьон оннукка-манныка түбэһитэлии сылдьыбыт эбит диэн түмүккэ кэллибит. Дьиэ ааныгар «входи смеясь, выйдя не плачь» диэн сурук баарын аахтыбыт.
Киэһэ дьиэбитигэр айанныырбытыгар аксакаалбыт, үрдүк үөрэхтээх түс-бас Тиэхээн «баччааҥҥа диэи ол-бу иччи суох дии саныырым, сыыспыт эбиппин» диэбитэ.
Айылҕа таайылла илик таабырына элбэх. Бу айылҕаҕа сылдьан тугу көрбүппүн-истибиппин, дьиҥнээх түбэлтэни суруйдум. Дьонум аатын уларыттым.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 11:12

Сиэри-туому кэстэххэ.

“Түҥ” учаастак аатын курдук түҥ* буоллаҕа, ол эрэн, бэйэтин кэмигэр, дэриэбинэ аатын толору сүгэн, ньиргийэн-ньаргыйан, чэчирии сайдан “Түҥ дуо” дэтэ сылдьыбыта. Сэбиэскэй тутул эстэн, олох айгыраан, кыанар-сэниэлээх өттө кин сиргэ талаһан, дэриэбинэ иччитэхсийбитэ. Сопхуостар суох буолуохтарыттан, дьон кэтэх хаһаайыстыбанан барбыттара. Сүөһү, сылгы аччаанот үрэх оттонор ходуһалара сэтиэнэҕинэн бүрүллүбүт тэрэ, талаҕынан саба үүммүттэрэ.
Биэс оҕолоох уһуйааннаах, аҕыс оҕо үөрэнэр алын сүһүөх оскуолалаах. Биэлсэрскэй пуун баара үлэлээбэтэҕэ хас да сыл буолла. Билигин ол дьиэ түннүгэ-үөлэһэ алдьанан, иччитиэхсийэн турар. Түҥкүтэх сир буолан, ким да үлэлии кэлиэн баҕарбат. Хараастыылаах.
Киин сири кытта сибээс – сайынын уунан эрэ баар. Кыһын сырыы аҕыйах буолан, суолларын тибии тибэн айан суола суох, онон кыһалҕалаахтар бураанынан сылдьаллар. Диизэлинэн үлэлиир ыстаансыйа дьыл оройуттан, уматыга бүтэн, түҥ былыргы олох эргийэр.
“Түҥҥэ” түҥ былыргыттан дьон-сэргэ сөбүлээн олохсуйбут сирэ. Дьикти-кэрэ айылҕата, булда-аһа икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи умсугуппут ахан сир. Төрүт уус дьон бары булчуттар. Ыраас салгын, сибиэһэй ас дьон олоҕун биллэрдикуһатар. Орто саас манна 80-90 буолар. Саастарын тухары балыыһа диэни билбэттэр. Эми айылҕаттан ылаллар. От-мас, кыыл-сүөл бары, кинилэр өлбөт мэҥэ ууларыгар тэҥнээх. Дьиҥнэээх айылҕа оҕолоро.
Айылҕаны дьиэлэрин курдук харыстыыллар. Сиэри-туому эҥкилэ суох тутуһар буоланнар, көмүс хатырыктаах, үрүҥ-хара түүлээх кэмнэнэн бултаныллар. Улахан булду киһини матарбакка үллэрэллэр. Булт бэрэбиэркэтэ манна кэлбэт. Айана эрэйдээх уонна бас-баттах сиэри таһынан бултаабаттарын билэллэр.


Айылҕа силигилии чэчирээн сайдан ахан турар. Чыычаахтар күргүөм** ырыалара, кэҕэлэр куоталаспыттыы кэҕийэллэрэ – кэрэ кэм эргийбитин кэрэһэлиир***.
Өрүс чуумпу ньуурун, мотуордаах оҥочо сүр эҥсилгэннээхтик силэйэ тыыран, балысхан баалы үөскэтэн иннин диэки дьулуһар. Оҥочоҕо үс киһи, туохха эрэ үөмэн эрэрдии, бүк түһэн олороллор. Сырдык хааннаах, ас-үөл иҥмэтэх дьарамай, кубаҕай дьүһүннээх, саас ортолоох киһи айылҕаны абылаппыттыы одуулуур. Олохтоох уолаттар, Бааска уонна Хаанньа өрүкүйбүттэрэ сүр. Дьокуускайтан кэлбит күндү ыалдьыт, арыгы испэтэхтэрэ
ырааппыт уолаттарга, аһыы утаҕынан төбөлөрүн эргитэн, муора тобуктарынан, халлаан хабарҕаларынан буолбут. Дьаллараҥнаһан****, мээнэнэн көрбүттэр, тугу барытын тоҕо
солуохтуу сытыылара киирбит. Ол да иһин, бу, сиэргэ баппат быһыыга туруннахтара.
Түҥ* - суола-ииһэ, сайдыыта суох үрэх баһа сир
Күргүөм**- элбэх чыычаах тэҥинэн ыллааһыннара
Кэрэһэлиир*** - туоһулуур
Дьаллараҥнаһан**** - киһиргээн

Алдьатыылаах “ас” арыгы төбөлөрүгэр дьайан, уһуну-киэҥи толкуйдаабат буолбуттар. Ыппыт охтуу баран иһэр оҥочо, эмискэ туора салаллаат от үрэҕинэн өрө өксөйөн, баллар баалларынан кытылга охсуллан түҥ ойуур диэки бара турда.
Үрэх тоҕойугар, харыйа былаастаах ойуур саҕатыгар, дэбигис харахха көстүбэт үүтээҥҥэ айанньыттар чуо кэлэн тохтоотулар. Бу, Бааска уол бултуур ыыра. Кинилэр аймах хаһыс көлүөнэттэн манна бултууллара биллибэт. Ахтылҕаннаах сиригэр кэлбиччэ, Бааска түөһүн муҥунан сибиэһэй салгыны эҕирийбэхтээтэ, кырдьаҕас тэҥкэ тиити кууһан тура түстэ, хайдах эрэ хараастыбыт* курдук буолан ылла.
Күн төһө да үөһэ турдар, бүгүн ханна да барбакка – чалбараҥ** тэрийэр буоллулар. Эбии арыгылаан кинилэртэн ордук киһи суох буолла. Хаанньа холуочуйан баһа*** босхо барбыт. Эмискэ төлүтэ биэрэн, бөтүгүрээн саҥарар бэйэтэ, биирдии тылы нэһиилэ төлө биэрэр буолбут. Баттаҕа арбайбыт, харахтара эрилиспиттэр, хара бараан бэйэтэ, көлөһүн аллан, сирэйэ оҕунуохха умньаммыт курдук. Хаанньа кэргэн, оҕо-уруу, дьиэ-уот, сүөһү-ас бөҕөтө, 40-нээх киһи. Сааһыгар улахан бултка дураһыйбат. Билбитэ эрэ – балык. Балык сырыытын эндэппэккэ билэринэн – тэҥнээҕэ суох. Ол да иһин, дьоно-сэргэтэ таптаан “Күөх Боллох” диэн ааттыыллар.
Куорат киһитэ Уйбаан, бу түҥ дойду баһыгар, иирэ байбыт дьон сорудахтарынан, эһэ оҕотун тутан илдьэ барар сыаллаах кэлбитэ. .Маннык дьыалаҕа сиэри-туому тутуһан олорор олохтоох дьон иннинэн сөбүлэспэттэрин билэр буолан Бааскалаах, Хаанньаны арыгы иһэрдэнтылларын ылла. Дойдуга – харчы, манна – арыгы тойон.
Өйдөрүн сүтэриэхтэригэр дылы арыгылаабыт дьон, сарсыарда сирэй-харах салбаҕыран, сэниэ-сээбэс эстэн тымныы ууну киллиргэтэртэнорпотулар. Уйбаан дьонноро аккаастаныах курдук буолбуттарыттан, арыгы иһэрдэн, дэлби киһиргэтэн, чэпчээбит дьон айаҥҥа туруннулар.
Бааска бу эҥэр тыһы эһэ баарын билбэтэ кэлиэ дуо, хас да сыл бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэккэ, суолларын туора хаамсыбакка сырыттылар. Бааска 30-тан тахсыбыт, сулумах булчут ааттааҕа киһи. Саас эһэтэ арҕахтан оҕолонон-урууланан, быстан-ойдон тахсарыгар балыгынан өл хаптаран сэниэ киллэртэрээччи, күһүнүн куһунан күндүлээччи. Бааска соҕотох оҥойор айаҕар төһө бэйэлээҕи сиэҕэй, онон эһэтинээн үллэстэллэр. Эһэ да, киһи үтүө сыһыаныгар хардаран, арааһынай айан эһэлэригэр киһитин үүтээнин тыыттарбат, үрэххэ уу баһар далаһатыгар кус өлүүлүүр. Быйыл икки оҕолонон – үөрүү үлүскэнигэр куустаран сылдьар.
Бааска төһө да холуочуйдар, сыыһа суолга туруммутун ис дууһата сөпсөспөккө иһэр. Онон эһэни таба хаампакка буола сатаан, хой баһынан***** эргитэр санаалаах. Күн ортото, өлүү түбэлтэлээх, эһэ бултуу барарыгар оҕолорун маһынан баттаппыт сирин таба хаамтылар. Олохтоох уолаттар, өйдөөбөтөхтүү бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр, иэдээн буолан
Хараастыбыт
- хомойбут
Чалбараҥ**- аһааһы-арыгылааһын
Баһа
*- төбөтө
Киллиргэтэртэн**** - иһэртэн
Хой баһынан***** - ырааҕынан
эрэрин сүрэхтэринэн сэрэйэн тылларыттан маттылар. Уйбаан үөрэн – харыс үрдээтэ.
Санаалыын самнан турар уолаттары эр-биир санныларын таптайда. “Маладьыастар,” – диэн тыл бастыҥынан хайҕаата. Эһэ оҕолорун сарылаппытынан саҕаларыттан харбаат, куулга симэтэлээтэ уонна алдьархай аанныы илигинэ суолларын көннөрдүлэр.
***
Түөртүүр ыам саҕана, иһэ дээдэйэн*, ыанньыйбыт ийэ эһэ ахтылҕаннаах оҕолорун аһата охсоору, атыҥҥа аралдьыйбакка бэйбэрэлээн иһэн икки атахтаах суолун таба тайанна. Сытыттан икки атын урааҥхай сыта баарын биллэ. Ийэ барахсан сүрэҕэ бэрт бөрүкүтэ суоҕу таайан бүллүргэччи тэптэ. Хааһаҕы быраҕаттаабыттыы сүүрэн, тэппит атаҕын кубулуппакка, оҕолорун хаалларбыт сиригэр тиийбитэ доҕоор… Бастаан көрбүтүн итэҕэйбэккэ, оҕолорун баттаппыт маһын аннын сытырҕалаан көрдө. Эмискэ, чэмэлийэн турбут күнэ кытарымтыйда, харахтара өһөхтөөх уотунан сириэдистилэр, арҕаһын түүтэ адаарыйан таҕыста, часкыйа-часкыйа сири сырбаталаата,сарайбыт тыҥырахтар сир кырсын логлорута тардан ыраах элиттилэр, оҕолорун баттаппыт маһын сулбу тардан ылаат, туох түбэһиэх саайталаата. Силбиэтэнии кытаанаҕыттан үүнэн турар мастар хатырыктара сулланна, мутуктара урусхалланна. Көй салгыҥҥа чыычаах ырыата иһийдэ, айылҕа чуумпурда. Арай оҕолорун сүтэрбит ийэ эһэ аймалҕана, аар тайҕаны аймаата. Дьулаан көстүү…
Хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри кыыһырбыт эһэ, сыраана саккыраабытынан, тыла былас түспүтүнэн үүтээҥҥэ ойуолаан кэллэ. Үрэххэ ыстанан киирдэ, салгыны сытырҕалаамахтаата. Оҕолорун таба туппатах абаккатыгар, хаһан эрэ Бааскаҕа өлүүлээн хаалларар далаһатын урусхаллаата, үүтээҥҥэ ыстанан кэлэн часкыйа-часкыйа киһи олорбот гына үнтү сыста. Онон уоскуйан хаалбакка, тыын да ылар бокуойа суох дьон олорор сирин диэки, оту-маһы барчалаан ыстана турда.
Сотору буолаат, чуумпуран турбут айылҕа, туох да буолбатаҕыныы чыычаах ырыатынан туолла, кыыллар-көтөрдөр оҕолорун биэбэйдиир аакка бардылар, арай элиэ, бүгүҥҥү аймалҕан тугунан түмүктэнэрин билэрдии, кый үөһээ модун кынаттарын сараадытан, көтөн дайаара сырытта. Күн арҕаалаан кытара кыыста.
***
Эйэ дэмнээхтик олорбут кыра дэриэбинэ, бүгүн ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы өрө оргуйа түстэ, баардара суохтара биллибэт, наар күлүгү батыһан, сыта мээрик буолбут, булчут ыттар эһэ оҕолорун сытын билэн, арҕастарын туруоран, өрө маргыһан, киһи көрө дьулайар киэбин ылыммыттар. Бааска ампаарын тула кытаанах ампаалыктаһыы. Сиэргэ баппат быһыы үөскээн – дьахталлар айахтара кытаран олорор. Итирик дьон дьахталлар саҥаларын аайы кыһанан бэрт, хата киһиргэс оҥостоллор. От кэмин үлүскэнэ буолан эр дьон сиргэ хоно-өрүү оттуу сылдьаллар, онтон атын Бааскалааҕы моһуораларын көннөрөллөрө хааллаҕа…
Баанньыска төрдүс кылаас үөрэнээччитэ, үөрэҕэр хоп курдук. Икки эдьиийдээҕэ улуус киинигэр үөрэнэллэр. Эдьиийдэрэ киэҥ сир туһунан кэпсээннэрин үлүбээй истэн эрэ кэбиһэр. Баанньыска дэриэбинэтиттэн тэйбэтэх буолан, “мантан кэрэ дойду баара буолуо дуо,” диэн санаан да көрбөт. Манна барыта бэйэҥ киэнэ, санааны кынаттыыр кэрэ айылҕаҕа көҥүл дуолан олох, ыраас-чэбдик салгын, сөтүөлүүргэ күлүмүрдэс уу. Уол кырабын дэммэт, биэс сааһыттан аҕатынаан илимнэһэн, кустааһыҥҥа тэҥҥэ
Дээдэйэн* - улаатан
энньэликтэһэн тымырын устун булчут хаана сүүрбүтэ ыраатта. Биир уостаах 16-лаах саанан кимнээҕэр кыраҕытык ытар. Өбүгэ саҕаттан, ким да былдьаспат, улар охсор сирдээхтэр. Аҕата ону Баанньыскаҕа анаабыта, онон сааһын
тоҕуулаан* дьоно киэһэ күөстэнэллэрин булан үөрдэр. Түҥ бөһүөлэгэ сүүрбэччэ эрэ ыаллаах. Бары булчуттар буолан, кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ булт эрэ туһунан, онон оҕолор булт суруллубатах сокуонугар, сиэргэ-туомҥа кыра эрдэхтэриттэн уһуйуллаллар. Аһыыр эбэлэригэр, андытыгар тиийэ, кус арааһа сымыыттаан, күһүн хара болуот курдук усталлара көрүөххэ дьикти үчүгэй. Кустары уйгуурдан ким да сааны эспэт, бэл ыттар кус оҕолооботтор. Кус сымыыт баттыыр кэмигэр улахан тыаһы таһаарбакка гына сатыыллар, оҕолор да ону бэрткэ билэр буоланнар – ити кэмнэргэ чуумпураллар. Барыта сиэр быһыытынан.
***
Ийэ эһэ төһө да адьырҕатын киллэрдэр, бөһүөлэккэ киириэн толунна. Мыраан үрдүттэн кэлбити-барбыты маныы сытта. Көхсүн иһэ күп-күрдьүгүнэс, өр тулуйан сыппата. Туох да кыһалҕата суох, мэччийэ сылдьар сүөһүлэргэ, хааһаҕы бырахпыттыы аҕыйахта ойуолаан кэлээт, Хаанньа тыһаҕаһын сиһин тосту охсон кэбистэ. Тыһаҕас эрэйдээх харахтарын эриэнинэн көрбүтүнэн, орулаабытынан баҕалыы сыыллан хаалла. Нэс баҕайы сүөһүлэр өйдөөбөккө да хааллылар. Тыһаҕас өлөр орулааһыныттан өй ылан дэриэбинэ диэки тилигирэһэ турдулар.
Дэриэбинэҕэ ынахтар орулааһыннара, ыттар үрүүлэрэ, дьахталлар сарылааһыннара өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолла. Өтөр-наар буолбатах айдаантан, бэл дьүлэй Наһаар оҕонньор истэн, дьиэттэн алтахтаан тахсан, чарапчыланан көрөн турда. Адьырҕа оҕолорун эккирэтэн кэлбитин бары биллилэр. Эһэҕэ сааны эһиэх айылаах киһи суоҕа кутталы өссө үөскэттэ. Тыллаахтара Мааппа:
-Эһэ оҕолорун ыыталаан кэбиһиҥ! Эһэ барыбытын тыыннаахтыы тутуоҕа! – дьахтар кутталыттан сүрэҕин тутунна.
-Эһэ оҕолоро Бааска ампаарыгар хаалла сыталлар. Барыаххайыҥ онно! – саастарынан аҕалара, оттомноохторо Кэтириис эппитигэр, бары Бааскалаахха сууллан** тиийдилэр. Көмүскэнээри атырдьах, мас ылбыттар. Бааскалаах, Хаанньа итирэн утуйа сыталлар. Эһэ оҕолорун ыыталаары гыммыттарыгар куорат Уйбаана, холуочугар тэптэрэн “бэйэтэ эһэ тириитин кэтэн”,*** саанан үөһэ ытыалаан дьахталлары куоттартаата. Икки уот икки ардыгар түбэспит дьахталлар, мээнэ тылга тииһэ сырыттылар. Киһи наадыйдаҕына биир да отчут, өйүө ылына, кэлбэт буоллаҕа…
***
Киэһээҥҥи ыам бүттэ. Дьахталлар эһэ буруоҕа кэлиэ суоҕа диэннэр, түптэ бөҕө оҥордулар. Сүөһүлэри далга хаайдылар. Эсэһит ыттар бааллар, онон эрэллэрэ – ыттарга. Ыттар да бултаабаттарын билэн эрдэхтэрэ. Бултка күөртүүр иччилэрэ суох буолан, арҕастарын түүтүн туруоран, халдьаайы диэки көрө-көрө үрэллэриттэн тойонноотоххо,
Тоҕуулаан* - туһахтаан
Сууллан** - тоҕо ааҥҥаан
“бэйэтэ эһэ тириитин кэтэн”*** - кыыһыран

эһэ арахпаттыы аараабыта* биллэр.
Баанньыска Куолуктуун дьахталлар утуйбуттарын кэннэ, эһэ оҕолорун ыытарга былааннаннылар. Ыттары тутан баайталаатылар, хата, булчут ыттар барахсаттар истигэннэрэ, сымнаҕастара бэрт буолан үлэлэрэ судургутуйда. Аны ампаары аһыы – саллыы диэтэҕиҥ. Бааска күлүүһүн тылын моонньугар иилинэрин бары билэллэр. Өссө күлүү-элэк оҥостооччулар:
-Ампааргар кылааттаах буолан хатыыгын дуо? – диэн. Этэр эттэҕинэ, эмиэ да сөп курдук. Манна хаһан да дьиэ-уот хатаммат… Уоруу диэни төрүт билбэттэр.
Маннааҕы сиэринэн, дьиэ иһиттэн хатамматах. Уолаттар аргыый сыбдыһан киирдилэр, сүрэх тыаһа эстиэнэ чаһытынааҕар улаханнык иһиллэр курдук. Куолук Баанньыскаттан биир сыл балыс. Сытыы, сылбырҕа уолчаан эрээри, бу түгэҥҥэ кутталыттан сыҥааҕа түһэн, харахтара төгүрүһэн хаалбыттар. Баанньыска атын кэмҥэ күлүөх эбит да, үөскээбит тыҥааһыннаах быһыы куттала баһыйда. Итирик дьон хаһыҥыраһаллара, куорат киһитэ хабырынара, Хаанньа эргийэн орону хаачыгыратара иитиллэн турар айаны санатар. Куолук ааҥҥа туран хаалла, төттөрү ойорго бэлэм. Баанньыска кэтэҕэмэйдээн тура түстэ, онтон синим биир диэбиттии супту Бааскаҕа тиийдэ. Салыбырас илиитинэн, бүк тутуллар быһаҕынан күлүүс тылын быатын быһа баттаата, субуйа тардаат таһырдьа ыстанна. Кыратык тура, уоскуйа түстүлэр. Ампаары аһаат, кууллаах эһэ оҕолорун ылаат, халдьаайы диэки сырыстылар. Биир кутталы мүлчү түһээт – киҥэ-наара алдьаммыт адьырҕа айаҕар баран эрэллэрин маҥкыларыгар** оҕустарбатылар. Өйдөрө-санаалара эһэ оҕолорун быыһыырга түмүлүннэ.
-Тохтооҥ! – түүҥҥү нуурал чуумпуну дьахтар хатан хаһыыта уйгуурдан, ой дуораана буолан хайаларга охсуллан дуораһыйа турда. Уолаттар сиргэ тоһоҕоломмут курдук, эмискэ тохтуу түстүлэр. Куолук ийэтэ Сүөкүччэ, ыҥыыр атынан бу битигирэтэн кэллэ. Сүөкүччэ түргэн-тарҕан туттуулаах, эр киһи үлэтэ диэн көрөн турбат, отуччалаах хоһуун дьахтар. Харабыыны туора сүкпүтэ дөссө эр хаанныыр:
-Акаарылар! Эһэҕэ өлө баран эрэҕит дуо?! – уонна эппиэт күүппэккэ, кууллаах эһэ оҕолорун сулбу тардан ылла. Эһэ сытын ылбыт ат, хаһыҥыраат кэннинэн тэйбэхтээтэ, икки кэлин атаҕар турда. Үүнүн ытыраат, төбөтүн булкуйа-булкуйа кырыытынан сүүрбэхтээтэ.
-Барыҥ, дьиэҕитигэр! – буруйдаммыт уолаттар дьиэлэрин диэки тилэхтэрэ хараара турда. Сүөкүччэ кыыла туран уйуһуйбут аты, халдьаайы туһаайыытынан салайаат тиҥилэхтээн кэбистэ. Ат буутайдыах курдук буолан иһэн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, кырыытынан лаһыйан туос бөтөрөҥүнэн түстэ. Сүөкүччэ алааска тумустаан киирбит тыаҕа чугаһыан куттанан, атын тохтотто. Хайыыбын диэбиттии эһэлэрин оҕолорун көрөн ылла. Ат адьырҕа сытын ылан, таныытын тардырҕатта. Тумустаан киирбит тыаны көрө-көрө кулгаахтара чөрөстүлэр, харахтара күлтэстилэр. Сүөкүччэ, эһэ ити тыаҕа кирийэн сытарын, сэрэйдэ. Эһэ оҕолорун сарылаппытынан куултан таҥнары сүөкээт, атын эргилиннэрээт быһа биэрэн кэбистэ. Дьөһөгөй оҕото барахсан, өлөр өлүү айаҕыттан куотардыы туох баарынан түстэ. Ат сиэлэ бураллан, кутуруга субуллан, көтөн эрэрдии дайда. Сүөкүччэ иҥэһэтигэр туран, салгыны хайытардыы хаптайан хаалла. Түргэн айантан уһун суһуоҕа субулунна, былааччыйата тэлээрдэ, хараҕыттан уу бычалыйда. Сытыы
аараабыта* - тохтообута
Маҥкыларыгар** - өйдөрүгэр
баҕайытык “атым эрэ бүдүрүйбэтэр” дии санаата. Кэннин хайыһан көрбүтэ, эһэ оҕолорун
ылан тыа диэки түүтэхтэнэн* эрэллэр эбит. Сүөкүччэ атын сыыйа тохтотто. Ааспытын кэннэ куттаммытын дьэ биллэ. Сап-салыбырас буолбут, сүрэҕэ өлөхсүйэн хотуолуох
курдук буолла. Атыгар, Ураанньыкка махтанан моонньун таптайбахтаата. “Арай аттан сууллубут буолуум,” – диэн ынырык санаа өйүгэр охсуллан ааста. Оҕолорун, кэргэнин санаан ытамньыйан ылла.
Эһэлэр халыҥ хаххаларыгар, суон дурдаларыгар тыа саҕатыгар тиийдилэр. Ийэ эһэ икки атаҕар туран, Сүөкүччэни одуулаата уонна оҕолорун иннигэр уктан тыаҕа киирэн сүтэн хааллылар.
-Барахсан, оҕолорун туһугар… – Сүөкүччэ аһыммытттын, бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
***
Бу айдаан кэнниттэн Түҥ дэриэбинэтэ үүт тураан** олоҕор эргиллибитэ. Оттон эһэ оҕолорун да ылан уоскуйбатаҕа, майгыта алдьаммыта. Оҕолорун эмиэ икки атахтаахтары абааһы көрөргө үөрэппитэ, онон кинилэр ыырдарыгар сылдьар кутталламмыта…Бэрээдэги кэстэххэ суут-сокуон бултуургун бобор, сааҕын-сэпкин былдьыыр, онтон сиэри-туому кэстэххэ олоҕуҥ да айгырыан сөп. Бу түгэн кэнниттэн Бааска бултуур быраабын ким да быспатаҕа. Ол эрэн, оҥорбут аньыытыгар тыаҕа тахсара күөмчүлэммитэ. Өһүөннээбит эһэ сонордоһоро кыра, Баай Барыылаах Байанайы кэлэтии – хаһан да бырастыы гыныллыбат.
Бааска арыгытын тамты бырахпыта. Улуус киинигэр көспүтэ. Быстах-остох үлэлэр кинини аралдьыппатахтара. Көҥүл-дуолан айылҕатын суохтаан, иинэн-хатан, чүмэчи курдук умуллан барбыта.


түүтэхтэнэн* - сүүрэн
Үүт тураан** - чуумпу

Иннокентий Попов – Оҕуруоттаах.

“Күрүлгэн” күрэҕэр 4 миэстэ

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 11:14

ХАРА КҮЛҮК

Айылҕаҕа, күннээҕи олоххо, киһи хараҕар көстүбэт дьиктилэр, сырдык уонна хараҥа күүс, үйэттэн үйэҕэ харсыһа сылдьар. Маннык көстүүнү, бука, үөһэттэн айдарыылаах, ураты оҥоһуулаах, эбэтэр атыннык эттэххэ, аһаҕас эттээх эрэ дьон көрөн, истэн эрдэхтэрэ…

Кэргэҥҥэр чугаһаама, кыратык кэһэйэ түстүн! Өссө сутуруктаан кулгаах тааска сырбата түһэн ыларыҥ буоллар, өссө үөрүөм этэ! Һа-һа-һаа!
– Сырбата да? Ээ олус сүрдээх дии, оҕолорум уһуктуохтара, кэбис, тыыппаппын кэргэммин.
Уопсайынан эн эр киһигин дуу, дьахтаргын дуу?! Мөлтөх да киһигин, күлүү гынабын мин эйигин!
– Суох! Мин эр киһибин!
Оччоҕо бу дьиэҕэ ким тойонун көрдөр! Тоҕо куруутун арыгы иһэргин бопсоруй! Мэһэйдэһэ сытыйан!
Саргылы ити санаа тырытатыыппытын кэннэ кырдьык да, кыратык сахсыйан, киммин-туохпун биллэрдэхпинэ табыллыыһы дии-дии тэлиэс-балыа сүктэнэн, дьахтар үрдүгэр түстэ…
– Айакаа! Саргыл, хайдах буоллуҥ?! Ама, мантан ыла аны кырбанарым эрэ итэҕэс буолла дуо? Аата сүрүн! Хайдах буоллуҥ?!
Кырбаа, кырбаа! Эн биһикки икки ардыбытыгар мэһэй эрэ буолар дьахтар! Аны утарылаһан көрөөр эрэ! Мин кинини бас билэбин, эн буолбатах! Һэ-һэ-һээ! Хата мин эһиги уу хараххытыгар көстүбэппин. Ол эрэн, түүннэри-күнүстэри киниэхэ олорсо сылдьабын. Миигин хаһан да сатаан быраҕыа суоҕа! Һа-һа-һаа! Билээхтээбэт буоллаҕыҥ, эн көрбөккөр биһи тугу гынарбытын. Аһыы утах иһэ-иһэ туора дьахталлары көрөбүт. Итирдэҕинэ кини хараҕар марба да дьүһүннээх кэрэчээнэҕэ кубулуйар. Дьон төбөтүн иирдэрбин наһаа сөбүлүүбүөн! Эһиги дьиэҕитигэр киирсиэхпиттэн ыла сыһыаҥҥыт тосту уларыйда, тапталгыт уостан эрэр, хармааҥҥыт да кураанахсыйда. Күн аайы мэйиитин иһигэр олорон – “Ис…ис… бүгүн эмиэ ис…– диибин. Онтон туохха эмэ түбэһэн дуу, биитэр ханна эмэ тоҥон өлөн дуу хааллаҕына миэхэ син биир. Атын да киһини булуом. Мин аллараа дойду оҕотобун, атыннык эттэххэ арыгы абааһытабын. Биһиги элбэхпит, ким баҕар моонньугар иилистиэхпитин, күлүгүн батыһан барсыахпытын сөп. Мөлтөх дьону курдат көрөн талабыт - “Бу миэнэ… Ол миэнэ…”- дэһэбит. Барахсаттар билээхтээбэт буоллахтара – биһигини кытта таптал сүтэрин, оҕо-уруу умнулларын, дьиэ-уот хааларын, доруобуйа бүтэрин, олох кылгыырын… Төһөннөн элбэҕи иһэр да, соччонон мин күүһүрэн, баараҕадыйан иһэбин. Онон үөрэ-үөрэ айаҕар аһыы утаҕынан аһата олоруом. Бөхчөйөн, харааран өлүөр диэри! Һа-һа-һаа! Аны наһаа элбэҕи истэҕинэ аҥар атаҕынан анараа дойдуга үктэнэр эбээт! Ханна баҕар моһолго түбэһиэн сөп, этиһэн, охсуһан да туруон сөп… Мин онтон үөрэбин эрэ, моонньугар мэҥэстэн олорон сытыы тыҥырахпынан сүрэҕин-быарын дьөлүтэ кэрбиибин, хара хааныгар уста сылдьан иһиттэн сиибин. Өйүгэр-мэйиитигэр силлии-силлии, сибигинийэ сылдьабын. Сирдээҕи дьон ону көрбөккүөт, билбэккиэт! Кыыһырдан көрөөр эрэ миигин! Өссө күүскэ кырбатыам! Истэҕин дуо?! Хантан истиэххиний, акаары дьахтар! Һа-һа-һаа!
— Иирдим дуу мин, бу тугуй?! Бэйэлээх бэйэм тапталлаах кэргэммэр илиибин көтөхтүм? Оо, хайдах да гынан бириэмэни эргиппэт буоллаҕым. Өссө дьиҥнээх эр киһибин дэнэбин. Бу саатын-суутун. Суох! Мантан ыла бэйэбин көннөрүнэбин! Аны хаһан да арыгы испэппин! Бүттэ!
Эс! Ама хайаан! Иһэҕин! Син-биир миигин кыайбаккын, тыҥыраҕым сытыы, быарын сүмэтин күн аайы супту уулуубун. Сүрэххин тэһитэ кэйэн, тыыҥҥын иһиллээн тэйиэм! Мааны остуолларга күндү ас мин буолабын. Кытаатыҥ, үөрүҥ-көтүҥ, дьонноргутун күндүлээҥ! Мин кураанах куртаххытын үөрдэ-көтүтэ манньатыам, хоҥ мэйиигитин сиэм-аһыам! Тыыннааҕыҥ тухары соһулла сылдьыам! Уҥа да хайыс, хоту да бар!
– Аанчыгыам, миигин бырастыы гын дуу, көрдөһөбүн! Бэттэх хайыһыый? Утуйдуҥ дуо, сыллыый?
– Хос иһиттэн таҕыс, чугаһаама миэхэ! Икки харахпар көстүмэ!
– Абааһы көрдүҥ дуо?
– Көрөн!

Абааһы дуо? Ээ сымыйалыыр ити! Этэбин дии, эһиэхэ мин көстүбэппин диэн. Истимэ! Үүрүллэ-үүрүллэ манна олоруоҥ дуо, бардыбыт! Таҥын! Билигин атаһыҥ Гириисэ төлүпүөннүө

Төлүпүөн тыаһа тырылыы түһэр, алдьархай ааҥнаабытын курдук, түүннэри ыал олоҕун аймыыр…

– Бачча түүннэри эмиэ хайалара субуоннууруй?? Хайа эрэ арыгыһыт табаарыһыҥ дуо? Биитэр, көрсүүлэнниҥ дуу?!
– Гириисэ, Гириисэ, уоскуй чэ! Уол оҕоломмут үһү, сууйабыт дуо диир,
– Эчикийэ! Эйиэхэ, куруук туох эрэ сылтах көстөн иһэр ээ! Оччоҕо эмиэ бардыҥ дуо?!
– Бардым, чугас доҕорум салҕааччыламмытын бэлиэтиибит буоллаҕа. Уол оҕо күн аайы төрөөбөт. Хата эн миэхэ хаһан бэлэхтиириҥ буолла?
– Тугу?
– Уол оҕону,
– Күн аайы арыгылыыр киһиттэн хайдах муус доруобай оҕону төрөтүөхпүнүй? Икки кыыстаахпыт дии, кинилэри да иитэн-аһатан, атахтарыгар туруордарбыт, ол да сөп.

Пыы, үөҕүллэ-үөҕүллэ олороҕун дии! Һа-һаа! Үчүгэйдик бу дьахтарга баһыйтарбыккын! Ньамах курдуккун, һэ-һээ!
– Аанчык, оччоҕо тугуй, миигин улуу иһээччи диир эбиккин дуу?! Инньэ диир буоллаххына сырыт! Уол оҕону төрөтөн биэриэн баҕалаах дьахталлар баһаамнар ини!
– Бар! Бар! Эйигинэ да суох олоруохпут! Өссө эҥин-араастаан тыллаһан эрэҕин. Сааппаккын даҕаны! Наһаа да уларыйбыккын! Урукку Саргылым ханан да суох буолбут! Ыый-ыый-ыыйбыан! Хаарыан тапталбытын, олохпутун аһыы утах суурайдаҕа… Хаһааҥҥыттан маннык арыгыга ылларбытыҥ буолла…

Ха-хаа! Дьэ, дьэ, дьэ, дьэ, дьээ! Айдаарсан, арахсан эрэллэр! Бэрт да бэрт! Мин саҥам төһө да иһиллибэтэр, тас көрүҥүм төһө да көстүбэтэр, Аанчык, иһит! Эн кэргэҥҥэр киһи уҥуохтарыттан сыстыбытым уонча сыл буолла. Аҕатын буорга кистээри турдаҕына сир анныттан таба көрөн, киниэхэ сыыллан тахсыбытым. Ытаан ньаҕайдана турдаҕына айаҕар аһыы утах буолан киирсибитим. Урукку талан ылбыт киһим оһолго түбэһэн өлбүтэ. Кинини анараа дойдуга атаараат – Хайа эрэ тыыннаах дууһаҕа киирэбин? – диэн толкуйга сылдьыбытым. Истэҕин дуо, Аанчык?! Чэ, быраһаай! Аны кэргэниҥ бу дьиэҕэ төннүө суоҕа, баҕаҥ хоту “Икки харахпар көстүмэ”,– диэбитиҥ бу түүн туолуо – анараа дойдулар кулгаахпар сибис гыннылар, быһахтаах киһини аара суолга бэлэмнээн олороллор үһү.

Арыгы абааһыта көҥүлүнэн айбардаан, батыһа сылдьар хара күлүк буолан, ыал аҕатын аһыы утахха умсаран кыайдаҕын! Хаарыан дьону суорума суолга үктэннэрдэҕин!

САРДААНА

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 16:28

Эккирэтии

Тыыннаах киһини үөр эккирэтиитэ диэн, дьэ, сүрдээх буоллаҕа, хара баттах маҥхайар, сүрэх хайдар куттала.
Лааптаптар муораларыгар Улахан Лээхэп арыытыгар сэлии муоһун анаан-минээн көрдүүллэр. Бу сиргэ араас өлөрсүүлээх да, дэҥнэнии да, арааска тиксии да түбэлтэлэрэ тахсаллара.
Биир уол халыҥ хаары туохтан да иҥнибэт кыахтаах тэрилинэн хайыта көтүтэн иһэн, арай өйдөөн көрбүтэ, эмиэ бурааннаах икки киһи иһэллэр эбит. “Кимнээх эрэ буолла?” – дии саныы турдаҕына, бу көтүтэн кэлбиттэр. Тута кэпсэтэн-ипсэтэн барбыттар, эдэрдэр эбит. Дьиктитэ диэн, уолаттар таҥастара чуолкайдык көстөр, оттон сирэйдэрэ көлөһүннүрбүт ачыкы нөҥүө көстөр курдук. Уол: “Хайдах-хайдах баҕайыный, хараҕым үчүгэй этэ дии”, - диэн дьиибэргиир. Эдэр дьон тутталлара-хапталлара, саҥалара-иҥэлэрэ киһиттэн атынын хара маҥнайгыттан атыҥырыы санаабыт. Уолаттар балтараа лиитэрэлээх испиири илдьэ сылдьалларын уос-тиис үллэстэн иһиэххэ дэспиттэр. Онуоха уол өссө да дьиксиммитэ ааспакка: “Ээ, суох, испэппин!” – диэн быһаччы аккаастаабыт. “Ыалдьыттар” сөбүлээбэтэхтии көрөн-истэн баран эппиттэр: “Дьэ, күндүлээһиммитин аккаастыыр буоллаххына, оччоҕо сырсыакалаһа оонньоотохпут буолуохтун!” – дэһээт, бурааннарын собуоттаан барбыттар. Уол былырыын бу диэки икки уол испииртэн суорума суолламмыт сурахтаахтарынкыл түгэнигэр өйдүү түһэр, бурааныгар олороот, муҥ кыраайынан ойутар, уолуйан хаалбакка, эргийэн-урбайан куотан тыыннаах хаалар.
Ити уолаттар сордоохтор эмискэ көстөн кэлбиттэрин курдук, соннук эмискэ сүтэн, туундара үрүҥ хаарын кытта суураллан хаалбыттар. Былырыын, кырдьык даҕаны, сэлии муоһун көрдүү сылдьаннар, техническэй испиири иһэннэр сүһүрбүт икки эдэр уол өлүгүн булбуттарын туһунан дьулаан сурах иһиллибиттээҕэ. Ол уолаттар үөр буолан, орто дойдуга сылдьан, өссө хас да киһини соһутуохтара, уолутуохтара биллибэт…

Дмитрий Михайлов

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 22:50

Илэ киирбитэ

2004 с. биир уһук нэһилиэккэ ананан үлэлии бардыбыт. Бастаан тиийээт дьиэ суох буолан оскуола дириэктэригэр түстүбүт. Кып-кыра дьиэ5э 3 о5олоох ыалга тиийээт да дьиэ булар түбүгэр туруннубут. Саатар бэйэбит курдук учуутал кыргыттар кэлбиттэрэ. Онон дьиэ була охсор күчүмэ5эй. Уопсай дьиэ5э толору олохтоох үлэһиттэр олороллор. Онон кэлии дьон бэйэбит дьиэ көрдөнөр буоллубут. Биһиги биир улахан эргэ (уопсайынан бөһүөлэк тутуулара үксэ эргэтэ киһи кутун-сүрүн баттыыр а5ай этэ) кынан баран тутуута барыта толорутун, дьып-дьап курдугун иһин онно тохтуур былааннанныбыт. Куһа5ана диэн онно соторутаа5ыта ол дьиэ5э төрөөбүт, улааппыт дьахтары таһаарбыттар этэ. 9 хонуга буола илигэ. Онон 9 хонугун ылааттарын кытта көһөн кэллибит. Аньыыр5аатарбыт да тус бэйэбит дьиэлэнэ охсор ба5алаах буолан хайыахпытый. Тиийээт оностон олорбутунан бардахпыт дии. Саатар ол өлбүт дьахтар хаартыската муннукка турара. Көрөргө ыарахан эрээри, улаханна уурбатыбыт. Киирбиппит а5ыйах хоммутун кэннэ, биир киэһэ утуйаары сыттыбыт. Ороммут төбөтүгэр “бра” турар . Өрүү уоттаах утуйааччыбыт, онон хос иһэ сырдык. Мин сытаат да сонно утуйбаппын, сыыйа-баайа утуйааччыбын. Бу да сырыыга сана утуйаары симириннии сыттахпына арай хоһум аана (икки аңыы силэллэр шторалаах) икки аңыы силэллэн кэллэ да, киһи мөссүөнэ киирэн кэллэ. Субу барытын көрө сытабын. Утуйа да нухарыйа да иликпин эбээт! Хайдах эрэ хамсыыр санарар кыа5а суох, ол эрэн барытын батыһыннары көрө сытабын. Дьининэн хос иһэ сырдык этэ, ол кынан баран бу киһиэхэ күлүк түспүтүн курдук дьүһүнэ көстүбэт; дьахтарын эр киһитин быһаарбата5ым. Киирээт устар курдук аргыыйдык чуо миигин көрбүтүнэн кэллэ уонна ата5ым үрдүгэр олордо. Ону эрэ кэтэһэ сыппыт курдук мин тэллэ5им иһигэр батары түстүм уонна онтон тахсаары чыраахтаһыы хаһыы-ыһыы бө5ө буоллум. Биирдэ өйдөөбүтүм киһим уһугуннаран илгиэлии олорор эбит. Куттаныа диэн кэпсээбэтэ5им. Дьэ дьиибэ киһи көрө сытан баттатара диэн, онно эбии тугу да кыммат кына баайыллан хаалара.
Ити түбэлтэ сыл иһигэр хаста да хатыланна, баттатан араастык көрөрүм. Сыл үлэлээт куораттаабыппыт.

2018 с. Дьокуускай

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 22:58

Чиччик ньирэй

   Сопхуоспут сайдарын саҕана мө­лү­йүөннээх хотоннор тутуллубуттара. Улахан түннүктэрдээх буолан, иһэ сырдыга, аһыыр сирдээҕэ, тэлэ­бии­һэрдээҕэ, ынах ыыр аппарааттааҕа. Оо, бу санаатахха, тутуу да тутуу! Кэлин алдьанан-кээһэнэн саамай куһаҕан хотоннортон биирдэстэрэ буолбута.
   Бу хотоҥҥо харабылынан анаммытым. Дьиҥинэн баһаарынай өттүн кэтиэхтээх этим даҕаны, ынах төрөтөҕүн диэтилэр. Сааһыары ынах маассабайдык төрүүр. Онон, 4 хотону субуруччу көрөбүн. Туруорбах хотоннор син ама соҕустара, муосталара эҥин кураанаҕа.
   Биирдэ биир төрөөрү сылдьар ынах ыалдьар да, сатаан төрөөбөккө турда. Ол иһин, дьон-сэргэ тарҕаһа илигинэ, икки уолу «илиилээн ылыахха» диэн көмөлөһүннэрэ хааллардым. Ынах иһигэр илиибин укпутум – тарбыйаҕым биир атаҕын тумса эрэ баар, биирэ суох. Атаҕа сыыһа барбыт диэн, көннөрө сатаатым. Туох да иһин көммөт, кыбыс-кытаанах, аны тугу эрэ таарыйдахпына: сүрэх курдук тэбиэлиир баар. Уолаттарга тарбыйах аҥаар атаҕын баайан баран, тардан көрөллөрүгэр соруйдум. Мин буоллаҕына, илиибин иһирдьэ уган, атаҕын көннөрбүтэ буолабын. Оннук эрэйдэнэн нэһиилэ төбөтө быкта эрээри, аҥаар атаҕа суох, биирэ токуруйа сылдьар. Үһүөн көмөлөөн, тарбыйахпытын тардан ыллыбыт. Токур атах туспа тахсан кэллэ. Тарбыйахпыт аҥаара эрэ сиргэ ньылбырыйда. Төбөтө сиппит, тииһэ, түүтэ барыта баар. Аҥаар атаҕа баар, биирэ токуччу хатан хаалбыт. Ис буотараҕа барыта эмиэ барыта чиҥ эрээри, таһа, тириитэ суох. Маҥнай сүрэҕэ таска сылдьыбытын туппаҕалаабыт эбиппин. Тарбыйах ынах иһигэр сылдьан тыыннаах, онтон таска тахсарыгар өлөн хаалаахтаабыт. Хата, ийэтэ ынах тыыннаах хаалбыта, улаханнык эчэйбэтэҕэ. Үлэлиирим тухары итинник чиччиги көрө илик этим.
   Өлбүт тарбыйаҕы таһырдьа сааҕынан көмөн кэбиспиппит. Ол саас ынах бөҕөтө өлбүтэ. Олус ыар саас ааспыта…

Басхаай.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
05.11.2022 23:01

Өлөн баран тиллибиттэр

 
   Былыр элбэх оҕолоох-уруулаах сэниэ ыал олорбут. Кинилэргэ тэҥнээтэххэ, ат­тынааҕы ыаллара олус дьикти майгылаах дьон эбит: үлэ­лээбэт, мэлдьи ускул-тэскил сылдьар, түптээн биир сиргэ олорбот.

Тиллибиттэр Тиллибиттэр Тиллибиттэр

Биир сайын, били, сэниэ ыал ийэлэрэ соһуччу баҕа­йытык өлөн хаалбыт. Дьоно чугас киһилэрэ соһумардык барбытыттан дэлби курутуйбуттар. Сайын буолан, өр сы­тыарбакка тута көмөргө кү­һэллибиттэр. Анараа дойдуга «ийэбит аччыктаабатын» диэн, арыылаах тууйаһы «кэ­һиилээн» атаарбыттар. Кистээбиттэрин нөҥүө күнүгэр, күн киириитэ оҕолор таһырдьа оонньуу сылдьыбыттар. Тии­ҥи эккирэтэн, тыа диэки сүү­рэн испиттэр. Арай чөҥө­чөккө ийэлэрэ олорор эбит! Оҕолор кыралара бэрт, өлүү, абааһы эҥин диэни билбэт буолан, куттамматахтар. Үөрүү­лэриттэн: «Аҕаа, ийэбит кэллэ, ийэбит кэллэ!» – дии-дии, дьиэлэригэр сүүрбүттэр. Аҕалара «тугу биттэнэр буоллахтарай» диэн сөбүлээбэтэх, куттаммыт. «Таһырдьа тахсымаҥ, дьиэҕэ олоруҥ» диэт, тыа диэки барбыт. Ол баран хараҕа тугу көрөрүн итэҕэйбэтэх. Кэр­гэнэ олорор үһү. Сибиэн буолуон тыыннаах киһи курдук сирэйдээҕэ. Дьахтар, кэргэнин көрөөт, кыбыстан, соһу­йан, тылыттан матан сирэйэ кытара түһэр. Эр киһи тута «тоҕо тута дьиэҕэ киирбэтиҥ?» диэн туоһуласпытыгар, «ээ, эһигини куттаамаары, та­һыр­дьа тахсаргытын күүтэн, туох диирбин толкуйдуу олорбутум» диэн хоруйдаабыт. Онтон дьоно уоскуйбутун кэннэ, маннык диэн сиһилии кэпсээбит.
   Били, аттынааҕы дьикти ыал аҕалара дьахтары көмөл­лөрүгэр сылдьыбыт эбит. Арыы­лаах тууйас укпуттарын көрбүт уонна хараҥарбытын кэн­нэ хаспыт. Бу дьикээр арыылаах тууйаһын, дьэ, ылаары гыммытыгар дьахтара туран кэлбит! Син «кут­таах-сүр­дээх киһи» курдук со­һуччута бэрдиттэн сүрэҕэ айа­ҕар тахсыар диэри куттанан куотан хаалбыт.
   «Сүтүктээхтэр» ийэлэрэ тыыннааҕа туохха тэҥнэһиэй, кинилэртэн дьол­лоох дьон суоҕа үһү. Эбиитин та­һы­нааҕы ыал аҕаларыгар «ийэбитин өрү­һүйбүтүҥ иһин» диэн махтанан, манньа биэрбиттэр диэн сурах баар.
    Иккис түбэлтэ сэбиэскэй кэмҥэ 1960-с сылларга буолбут. Биллэр-көстөр, кыахтаах тэрилтэ үлэһитэ өлөн хаалбыт. Үһүс күнүгэр анараа дойдуга атаараары дьоно, доҕотторо ахта-саныы бүтэһик остуолга олорбуттар. Кэллиэгэтэ тыл этээри турбут. Арай хоруобу көрдөҕүнэ, били киһитин илиитэ хамсыыр үһү. Мындыр киһи дьону уолутумаары, бэрт холкутук бары таһырдьа тахсалларыгар көрдөспүт. Дьон таһырдьа тахсан үмүөрүспүттэр. Кэллиэгэтэ дьону таһаартаан баран, иһирдьэ киирбитэ: киһитэ хоруопка олорор үһү. «¤уу, уһуннук да сыттым. Эмискэ туран кэллэхпинэ, мин оннубар элбэх киһи сүрэҕэ хайдан атаҕын тэҥниэ эбитэ буолуо… Хата, өйдөөн көрдүҥ дии» диэбит. Ити кэннэ кутурҕан күнүн оннугар үөрүү-көтүү өрөгөйүн ыспыттар. Эрдэ көмө сатаабыт киһилэрэ өссө 9 сыл олорбут үһү диэн кэпсииллэр.

Басхаай.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 16:02

Тэҥҥэ чэйдэспит ыалдьыт  

Ыраах сиртэн биир улуус кытыы дэриэбинэтигэр ааһан иһэр айан дьоно тохтоон чэйдээн ааспыттар. Кинилэри кытта онно тэҥҥэ көстүбэт киһи чээйдэспитин туһунан хойукка дылы кэпсээн оҥостолоро. Ол маннык этэ. Кирилэ диэн оччолорго 40-нун ааспыт аҕамсыйбыт киһи, эдэр 20-тин саҥа ааспыт уолу кытта таһаҕас тиэйэ ыраах айаннаан иһэн, оччолорго аара аһыыр, итии киллэринэр кафелар, чаайынайдар суох кэмнэригэр суол айаҕар турар оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ аһыыр эбиттэр. Бу сырыыга эмиэ уруккуларын курдук массыыналарын олбуорга киллэрэн, оҕонньордооххо киирбиттэр. Оһох уота тигинэччи оттуллан, таһыттан киирбит дьону сылааһынан угуттаабыт. Оһох таһыгар ас астаан букунайа сылдьар эмээхсин билэр дьонун көрөн сэргэхсийэ түспүт. Оҕонньор кэтэҕириин ороҥҥо хаһыат ааҕа сытан, дьон кэлбитин көрөн туран, ыалдьыттарын көрсүбүт. Ыраахтан кэлбит дьон оҕонньорго куруук кэһиилээх сылдьар үгэстээхтэр эбит. Ол үгэһи тутуһан күө-дьаа чээйдээри олордохторуна, ыалдьыттарга анаан ылыллыбыт икки чааскыттан биирэ арай чэй кутуллаатын кытта салгыҥҥа көтөҕүллэн кэлбит. Оҕонньордоох эмээхсин саҥата суох сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэр. Ыалдьыт кубарыйан, көрбүтүттэн соһуйан ах барбыт. Арай салгыҥҥа көтөҕүллүбүт чааскыттан, ким эрэ, көстүбэт киһи чэй иһэн киллиргэтэр тыаһа иһиллибит. Ыалдьыттар хамсаабакка таастыйан баран олорбуттар. Эмээхсин үһүс чааскытын ылан ыалдьытын иннигэр аҕалан уурбут. Саҥата суох чээйдии олорбуттар. Онтон эмээхсин күөһүн хоторон остуолга аҕалыыта, били көстүбэт киһи аны тэриэлкэлээх аһы бэйэтин иннигэр тардыммыт.  Дьэ, онуоха дьиэлээх оҕонньор ыксаабыт. Биир үрүүмкэҕэ толору ыалдьыттарын кэһиититтэн кутан баран аал уотун иннигэр аргынньахтаан олорон көрдөһөн барбыт. Онуоха остуол диэкиттэн саҥа иһиллибит: Бээ, дьиэлээх кырдьаҕас ыгылыйыма, мин эмиэ ааһан иһэр айанньыппын, эһигини куттаамаары, ыар тыыммынан салгыҥҥытын хамсатымаары көстүбэппин. Бу айан дьонун кытта араа-бараа айаннаан испиппит. Айыы аһылыгыттан аһастым, ону баалаамаҥ, — диэн баран, эмискэ тас халҕан аһылла биэрбитигэр, таһыттан тымныы салгын бургучуйан киирбитин курдук, аан тыастаахтык сабыллан хаалбыта. Көстүбэт ыалдьыт тахсан барбытын кэннэ, тыҥаан хаалбыт быһыы-майгы кэҥииргэ, чэпчииргэ дылы буолбута. Ити курдук хата кинилэр дьоллоругар, амарах санаалаах абааһыта биллибэт айыыта биллибэт, тэҥҥэ асаһан ааспытын туһунан Кирилэ өтөрдөөҥҥө дылы кэпсиир буолара.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 16:10

Дьикти хомус баар этэ биһиэхэ.

Устар ууну сомоҕолуур этитилээх хомус мин ийэбэр баар этэ. Мин оҕо эрдэхпинэ биһиги уулусса эмээхситтэрэ Баабылаба Маайа, Мыччылла Балбаара, Толлопут Борускуо, Маарыйа эмээхсин, Ньолоспо Мотурууна эҥин киэһэ биһиэхэ мустан олороннор “Ылыый Өрүүнээ хомуста тарда түс эрэ”-дииллэрэ. Сороҕор “чэйиий Өрүүнэ былыргыны кэпсээриий”-диэн баран ийэбин тула олоппосторун сыҕарытан олорунан кээһэр ээтилэр ээ барахсаттар. Ол истэ сатыыр хомустарын былыр Киирэп тимирин ууһа Күөрдээн уус кыстыгар таптайан,уотугар уһааран таһааран анаан эттиттэрэн мин ийэм ийэтэ сүктэн кэлэригэр харысхал кынан бэлэхтээбит хомуһа эбит. Чараас баҕайы тыллаах хомус этэ. Ийэм миигин ол хомуһунан тардарга үөрэппитэ. Дьэ дьүрүһүтэн этэр хомус этэ. Хомуһу тардарга тыын уһуна наада. Биһиги тыыммыт тиийбэккэ чылыгыратан кээһэр этибит. Ийэм холобур хомуһун айаҕар аҕалан тирээн баран биир охсуутугар иккитэ тыын эҕирийэр этэ. Хомуһун тохтоппокко туран. Ол уларытарыгар ыраах баҕайы дүҥүр тыаһын курдук хос тыас иһиллэн ааһар буолааччы. Ону эмээхситтэр истэн “хос туох тыаһыырый хотуй”-дэһэр этилэр. Оннук хаайаннар ийэм былыргы һакыбыйааһын аһан хомуһун ыллаҕына остуол тула сүөгэй үүттээх чай иһэ-иһэ олохторун оҥостон олорон сэргээн истэр этилэр. Арааһа бу Сайылык түбэтигэр ийэбэр тийэр хомусчут суоҕа буолуо . Ол этэр хомуһуннаах хомус тыаһа биһиги кыра дьиэбитигэр дөрүн-дөрүн дьүрүһүйэр буолар этэ. Эмээхситтэр эрэйдээхтэр санаалара сайан,сүөм үрдээн, дьоллоох дорҕоон доҕуһуолугар уйдаран үөрэн көтөн тарҕаһар буолаллара.
Эбэтэр ийэм араас дьикти кэпсээннэрин, тиһигин быспат үһүйээннэрин дьиҥ олоххо буолбут номохторун истэн түүннэри олорор этилэр.
Ити дьикти хомус ханна баттай,бу дьикти таабырыын.
Ийэм өлүөр дылы бу хомус баара. Били былыргы һакыбыйааһыгар ол бу малларын кытта илдьэ сылдьыбыта. Туохтан эбит хомойдоҕуна хоргуттаҕына ылан тардан хомус дьүрүскэн тыаһынан санаатын бөҕөргөтүнэрэ. Өлүөн иннинэ “тоом,уута аҕал эрэ”-диэбитин куруускатыгар сылаас уу кутан иһэрдибитим. Ол иһэн баран саҥара сатаабыта ону истэ сатаан баран кулгаахпын айаҕар даҕайан үс тылы истибитим. Ол “тоойуом били хомуһу”-эрэ диэбитин. Салгыы кыайан истибэтэҕим. Туох дии сатаабытын туох билиэй. Арааһа “тоойуом били хомуһу бээбэр угаар “-диэбит буолуон сөп эбитэ дуу кэлин санаатахпына. Онтон ийэбин тиһэх суолугар харайа сылдьан хомуһу санаан били һакыбыйааһы ылан аһан көрбүтүм ол бу малын түгэҕэр хомуһун таҥаһынан боччоччу эрийэн кээспитэ сылдьар этэ. Ону ылан ороҥҥо олорон тардан охсон көрбүтүм били урукку курдук дьүрүһүйбэт чылыгырыыр эрэ этэ. Ону онно муодарҕаан баран аһаран кээспиппин. Төттөрү мөччөччү суулаан баран төттөрү ууран кээстим. Ийэбин таһааран эҥин сүүрбэччэ хонон баран утуйа сытан уһугуннум түүн. Арай иһиттэхпинэ ким эрэ тугу эрэ көрдүүр тыаһа иһиллэр. Ону истэн “кимҥиний тугу көрдүүгүнүй”-диэбиппэр сүтэн хаалла. Салгыы утуйан хаалбыппын. Сарсыарда үлэбэр бараары туран уоту аспытым арай били хочуоҥкаҕа уурбут һакыбыйааһым киирэн хаҥас остуолга турар. Чэ,ону үлэҕэ ыксаан аахайбатым. Ылан остуол быарыгар уурдум. Ол саҕана Саҥа Дьабыга дайаккалыыбын. Үлэбэр тиэтэйэн бардаҕым дии. Киэһэ кэлэн били һакыбыйааһы санаан ылан аһан көрдүм. Санаабар хомуһу тардан көрөөрү. Онтум мөччөччү сууланан баран һакыбыйаас муннугар сытар анныгар луоска көстөр. Диктиргээн ылбытым үрүҥ көмүс улахан баҕайы луоска эбит. Хата онно санаатым бу луоска кур баарын уонна хата түөрдүөн хонугар балтыбар бэриллиэ этэ диэтим испэр. Төттөрү угаттаан баран хочуоҥкаҕа таһааран кырыы дьааһыкка уган кээстим һакыбыйааһы. Аҕыйах күн им дьим сырыттыбыт. Онтон ийэм түөрдүөн хонугун чугаһыгар түүн эмиэ туохтан эрэ һиэгиргээн уһуктан кэллим. Арай хаҥас долбуурга ким эрэ эмиэ тугу эрэ көрдөөн иһити тыаһатар. Ону истэн кэргэним куттанан миэхэ ыга сыстан сытар. Уол кыра буолан утуйан буккуруу сытар. Таспар сытар онон ытыспынан тутан сытабын. Онтон доҕоор хаҥас долбууртан хобордоох түстэ. Төкүнүйэн лүһүгүрээн кэлэн оһох иннин диэкки оҕутта. Тыаһа улахана эчи сүрүн. Ол кынан мин олох да куттаммаппын хайдах буолтум буолла. Хата төттөрүтүн кыыһыран кэллим итиэннэ “билээт, тугу көрдүүгүт, сүгүн олордуҥ эрэ”-диэн улаханнык саҥардым. Сонно ылы чып баран хаалла били тыаһым. Утуйан хаалбыппыт . Сарсыныгар туран били төкүнүйбүт хобордооҕу булбатым. Эгэ биһиэхэ хобордоох да суох этэ ээ. Дьэ дьикти. Чай куттан иһэ туран көрбүтүм хаҥас остуолга били кырыы дьааһыкка укпут һакыбыйааһым киирэн турар. “Һык”-кына түстүм ээ ону көрөн. “Ама ийэм хомуһугар кэлэн батта буолуо дуо”-диэммин . Ыксаан аһан көрбөккө ылан остуол быарыгар (алараа долбууругар) ылан ууран кээстим. Икки күнүнэн түөрдүөн хонуга буолар. Онон оттон дьоммун күүтэн сылдьабын буоллаҕа. Сарсын буолуохтаах ол түүнүгэр эмиэ эмискэ уһугуннум иһиттэхпинэ үөһэттэн дьиэбит оттотун диэкки туох эрэ ыарханы быраҕан “лиис”-кыннардылар ээ. Олох ороммор олоро түстүм да бабыгырыы түстүм.“Абаккам да эбит бу билээттэриэ”-диэбитинэн туран уоту астым. Туох “лис”-кыммытын көрө сатаатым да суох. Оһохтон сылаас уу куттан иһэн баран күрүүкэни ылан уолум оронун анныгар уктум уонна кыптыыйы сыттыгын анныгар уган баран утуйан хааллым. Бүгүн кэпсэтэн солбуйаллар онон өрүүбүн. Налыччы туран уот оттуннум. Ол олорон хаҥас остуолга уурбут һакыбыйааһым үөһэ тахсан ууруллубут.
Мин остуол быарыгар уурбутум ээ. Хайдах хайдаҕый диибин. Ылан аһан көрбүтүм били хомус уонна үрүҥ көмүс луоска суохтар. Ама ону кэлэн ылан батта буолуо дуо диэн билиҥҥэ дылы дьиктиргиибин.
Эмиэ да ылан барыан сөп курдук. Биирдэ төһөөтөхпүнэ хантан эрэ үчүгэй баҕайы хомус тыаһа иһиллэр. Ону ээ ийэм баар эбит дии хомуһун тыаһа кэлэр диибин. Ыраах баҕайыттан дьүрүһүйэр тыс чугаһаан ийэм кэннинэн баттаҕа сиргэ тиийэ намылыйан хомус тарда олорор эбит. Ону били луосканы санаан ыйытаары “ийээ”-диэн иһэн уһуктабын. Ити түүлбүнэн тойонноотоххо хомуһун ылбыт быһыылаах.
Оттон үрүҥ көмүс луоска дьылҕата таайыллыбат таабырыын буоллаҕа. Баҕар биирдэ эбит түһээн билиэм диэн эрэх турах сананабын ээ.

Баһылай.
Хорула.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 16:15

Бөргөндө сибиэнэ

1941 сыллаах аччык сут-кураан кэмигэр аҕабыныын Эбэҕэ ыам соботун бултуу киирбиппит. Аҕам ол түүн эбэтигэр ыамныы киирдэ. Мин дьиэҕэ соҕотох хаалан, балаҕаным үөһэ аҕабын көрө көрө оонньуу олордум. Түүн иччитэх дьиэҕэ киирэн, улаҕа диэки хайыһан сыттым. Ол сыттахпына былытгы дьиэ алдҕаммыт ааныгар хара күлүк кэллэ. Кэллэ да миигин:-“Тоҕо уоккун оттубаккын?!"-диэн күргүйдээтэ. Мин ыксаан сулбу ойон турдум да, утары сүүрэн ааһа турдум. Күөл саҕатыгар сылдьар аҕабар тиийдим. Аҕам тыынан кытылга тиксибитигэр ытыы-ытыы туох буолбутун кэпсээтим. Ону аҕам” ол миигин сиэри сылдьар баҕайы буолуо"- диэбитэ. Сорох ардыгар бултуу сырыттахпытына кыһын балаакка тулатыгар биир кэм көҕөн саҥата буолара. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, Корякин булчут күөлүгэр тиийэн, аһаары олорон, биир бытыыбкалааҕыттан кэрээнэн, бу мантан эмиэ уокка бэрсиэм дуо диэн, барытын бэйэтэ иһэн баран, арай утуйардыы оҥостон сыппыт. Ону баара туохрэ биллибэт, хараҕар көстүбэт күүс суүу-субу атаҕыттан сиргэ соһон түһэрэн иһэр эбит. Онтон ыксаан, түүннэри “бураанын” эһэн Алаастан анаан-минээн арыгы илдьэн, аал уотугар алгыы-алгыы куппут.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 16:16

Дэриэтинньик

Бу түбэлтэ сылгыһыттар ортолоругар элбэхтик кэпсэнээччи. Арай биир сылгыһыт уол биэлээх кулунчугун сүтэрэн кэбиспит. Билэр-билбэт алаастарын барытын кэрийбит. Онтон биир үтүө күн биэлээх кулунчугун көрдөөн, өтөхтөөх алааска тиийэн кэлбит. Өйдөөн көрбүтэ, биэтэ балаҕан тула сүүрэ сылдьар үһү. Дьиктиргээн, балаҕан иһигэр киирбит. Туох эрэ тилигириирин истэн баран көрбүтэ, кулунчуга эргэ наара ороннор быыстарыгар кыбыллан сытар үһү. Уол: “Хайдах манна киирэн кыбыллан хааллаҕай?” – дии-дии, кулунчугун хостообут. Балаҕан аанын аһыллыбат гына күрүө тостубут баҕанатынан баттатан кэбиспит. Онтон сылгыларын булан, үөрэн-көтөн дьиэлээбит.   Сарсыныгар эмиэ биэлээх кулунчуга сүтэн хаалаллар. Эмиэ ол сиртэн наара ороннор быыстарыттан булан ылан быыһыыр. Оннук хаста да хатыланар. Сылгыһыт уол: “Хайдах баттатыылаах ааннаах өтөххө киирэн кыбыллан хааларый?” – диэн наһаа муодаргыыр.      Биир үтүө күн эмиэ өтөҕөр кулунчугун көрдөөн кэлэр. Кулунчуга миэстэтигэр сытарын булан ылан хостоон эрдэҕинэ, арай, ынырык куһаҕан сыт кэлэр. Уол эргиллэн көрбүтэ, муус маҥан баттахтаах абааһы эмээхсинэ киһи кута-сүрэ тостуох курдук, күлэн ардьайа турар үһү. Киһибит кутталыттан аан диэки ыстаммыт. Онуоха абааһы эмээхсин ааны бүөлүү турбут. Уол түннүгү былдьаспыт. Эмээхсин түннүгү күөйбүт. Айыы киһитэ барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут. Абааһы сытыттан-сымарыттан мэйиитэ эргийэн, өй-мэй буолан барбыт. Ыксаан, сүүрэн тиийэн баҕана эркинин саннынан аспыт. Уол дьолугар, эргэ балаҕан эркинэ сууллан түспүт. Онон тахсан атыгар олоро биэрээт, ол сиртэн туос бөтөрөҥүнэн куоппут. Арай кэнниттэн: “Эдэр буолаҥҥын быыһанныҥ, саастааҕыҥ эбитэ буоллар, сиэхтээҕим хаалла!” – диэн абаккарбыт хаһыы-ыһыы иһиллибит.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 18:19

Иччилээх дьиэ

Бу түбэлтэ Хабаровскай кыраайга байыаннай сулууспаҕа хантараак баттаабыт сылбар буолбута. Өйдүүрбүнэн, биэс-алта сыллааҕыта… Хабаровскай кыраай Князе-Волконское диэн сирин килбэйэр киинигэр дьиэ уһуллум. Буруо таһааран, дьиэ-уот тэринэн биир ый олус үчүгэйдик нус бааччы олордум.
  «Хата, нэһилиэк киинигэр этэҥҥэ дьиэлэнэн хааллым» диэн испэр үөрэ саныырым.
  Биир күн түүн ортото эмискэ уһуктан кэллим. Уу чоккурас буолбуппун, сэниэм суох. Саатар, атахпын хамсата сатыыбын да, үрдүгэр туох эрэ сытарын курдук ыбыс-ыарахан. Бастаан утаа «атаҕым утуйда ини» диэн улахаҥҥа уур­батым. Арай ол «ыараханым» хамсыыр. Тымныы уунан ыстарбыт курдук буоллум. Тугу гыныахпын билбэккэ, суорҕаным иһигэр тити­рии-тиритэ сыттым. Кэтэ­һэ сатаан баран, тулуйбакка, куттаммытым бэрдиттэн, атахпын сыҕа­рыттым. Били «ыараханым» эмиэ хамсаата уонна муостаҕа ыстанан «лип» гынна. «Туох буолла­ҕай» диэн сэрэниин-сэрэнэн, хараҕым кырыытынан көрбүтүм баара… Чооску курдук муруннаах, кылгас кутуруктаах, туйахтаах атахтаах сүллүүкүҥҥэ майгынныыр харамай барайан турар эбит! Көрбөтөхпүн көрөн, өйбүн сүтэрэ сыстым, хаһыытаатым. Хатан кыланыыбын истээт, били «харамай» оһох кэннигэр сүүрэн сүтэн хаалла. Сүппүтүн кэннэ, дьэ, өйдөммүт курдук буолаат, тута таһырдьа ыстанным… Ол онон аастаҕа.Кимиэхэ кэпсиэхпиний? Ким итэҕэйиэҕэй?
  Ити түбэлтэ кэнниттэн үлэм кэннэ дьиэбэр куттана-куттана кэлээччибин. Били «харамай» ардыгар эмиэ биллэн ааһааччы. Хайыамый? Бол­­ҕомто уурбат буола сатааччыбын, баҕар сүтүө диэн эрэнэр этим даҕаны төттөрү буолан тахсыбата дуо?!
  Сарсыарда дьиэм иһигэр хаамар-сиимэр тыастан уһук­та биэрдим. «Хара сарсыар­даттан киммит киирэн ай­маатаҕай?» диэн уум быы­һы­гар көрбүтүм – туус маҥан баттахтаах, бытыктаах, нүксү­гүр оҕонньор төттөрү-таары хаама сылдьар эбит. Соруйан саҥарбакка, хоспуттан маныы сыттым. Өйдөөн көрбүтүм, оҕонньор быа тутуурдаах эбит. Чочумча буолаат, хаамарын-сиимэрин тохтотон, олох мас ылла уонна үрдүгэр ыттан өһүөҕэ тоһоҕо саайан киирэн барда. Ол кэннэ көр­бүппүн кэмсинним… Быатын тоһоҕоҕо иилээт, ыйанан кэбистэ. Ынырыктаах ыар ынчык иһилиннэ…
  Алдьархайы көрбүт киһи, хаһыытыы сатаатым да, саҥа тахсыбат, хамсыыр да кыаҕым суох. Утуйа сытар эбиппин. «Чэ, түүл эбит» диэн сапсыйан кэбиһиэхпин, били өһүөҕэ то­һоҕо саайыллан турар этэ. «Кэбис, сүгүннүө суохтар» диэммин, дьиэбиттэн көспүтүм. Туох-туох дьон олорон ааспыттарый, ким билиэ баарай? Дьиэ хаһаайыннара туох да хоруйу биэрбэтэхтэрэ. Ити дьиэ билигин да турар.
 Ай Сиэн.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 18:21

Тыас-уус

Бу түбэлтэ 2012 сыллаахха, оскуоланы саҥа бүтэрбит сылбар буолбута. Ол курдук, сайын, от ыйын куйаас күннэрин баттаһа, дэриэбинэттэн балтараа көс ыраах сытар Наҕааны сиригэр оттуу кэлбиппит. Наҕааны бэйэтэ көмүс хатырыктааҕынан, көтөр кынаттааҕынан биллэр, көнө хонуулаах улахан алаастыҥы сир. Аҕабынаан иккиэйэҕин кэлэммит, уруккута ЛТО лааҕырын дьиэтэ баарыгар онно түһүммүппүт. Былыр-былыргыттан дьон-аймах олорон ааспыт сирэ. Олору туоһулуур хас даҕаны былыргы киһи уҥуохтара буолунай элбэхтэр. Кэлээт, сээкэйбитин бэринээт күөс күөстэннибит. Аҕам, саастаах киһи быһыытынан уоту аһатта, урут олоро сылдьыбыт буолан “оҕолоргун баалаама” диэн көрдөстө. Ол курдук, аҕам дьиэ иһигэр киирэн сытта. Мин огдоон тула ону-маны бэрийэ сырыттым. Тула иһиллээбит курдук уу-чуумпу. Эбэбит барахсан биир да долгуна суох тула баар мастары барытын сиэркилэҕэ курдук көрдөрөн сытар. Эмискэ, аһаҕас турбут дьиэбит аана ким эрэ хайа бырахпытын курдук саба быраҕылынна. Аҕам дьиэттэн тахсаат: “Тоҕо аанынан оонньуугун?”, диэн саҥарда. Ону мин: “Бэйэтэ сабылынна”, диэн эттим. Ону аҕам “баҕайылар арыгыга сөп буолбаккалар дьээбэлииллэр эбит” диэн мөҕүтүннэ уонна уокка арыгыны ыста. Салгыы туох да буолбата. Дьиэбит тулатын охсон бараммыт утуйардыы сыттыбыт. Арай, эмискэ, аан хоско дьиэ иһигэр киһи бөҕө киирбитин курдук атах тыаһа бөҕө буолла. Саҥа-иҥэ бөҕө. Мин куттанан этим сап-салыбырас буолла. Куттанан аҕабын туруордум. Аҕам тураат, “сүгүн буолуҥ” диэт салгыы утуйан мунна хаһыҥыраабытынан барбыта. Ол көстүбэт баҕайылар түүн хойукка дылы аан хоско ньамаласпыттара. Саҥаларын дорҕооно отой чуолкайа суох этэ. Ити сайын Наҕааныга икки күрүө оту оттообуппут. Биирдэ биир аһаҕас харахтаах (эттээх) оҕо кэлэн сылдьан, ити дьиэҕэ киирбэтэҕэ. “Дьиэ иһэ тобус-толору киһи бөҕө” диэбитэ. Ити ЛТО дьиэтигэр хас киһи, оҕо-аймах олорон ааспыта, олортон ким-хайдах дьылҕаламмыта биллибэт буоллаҕа. Урут олоро да сылдьыбыт дьон куттара-сүрдэрэ төрөөбүт алаастыгар сүппэттии иҥэн хааллаҕа.

Айсен Николаев-Лэҥкэ

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 18:25

Айданнаах ыаллыылар.

Эһиэхэ биир түгэни кэпсиэхпин баҕарабын. Бу туһунан өр кимиэхэ да быктарбакка сылдьыбытым. Тоҕо диэтэххэ, ити мин уйулҕабар улахан охсуу этэ. Киин куораттааҕы үрдүк үөрэх кыһыытыгар үөрэнэ сылдьарым, Дьокуускайы наһаа ахтарым. Ол иһин үөрэхпин Дьокуускайга көһөттөрбүтүм. Хата, бэрт түргэнник көһөрбүттэрэ, ол эрээри куорат олохтооҕо буоларын быһыытынан, уопсайга миэстэ биэрбэтэхтэрэ. Төрүттэрбин кытары олоруохпун баҕарбатаҕым, кэнники соҕотоҕун олорорго үөрэнэн да хаалбытым. Дьиэ куортамныырга быһаарыммытым, ситэтэ суох хааччыллыылаах дьиэни чэпчэкитик, уон тыһыынчаҕа, куортамнаапытым. Соҕотох кыыс олороругар сөрү-сөп этэ.
Ити дьиэҕэ мин үс нэдиэлэ олорбутум уонна көспүтүм. Көспүт төрүөтүм —- үөһэ олорор ыаллар олус айданнаахтара. Күнүс да сынньаппаттара, түүн да утуппаттара. Мин тулуурум үс нэдиэлэҕэ эрэ тиийбитэ. Мэлдьи оҕо ытыыра, омуна суох, түүннэри-күнүстэри бэбээрэрэ. Олус үскэл, сүүһүнэн киилэ ыйааһыннаах киһи төттөрү-таары адаҥхастыыра, оттон түүн муостаны тугунан эрэ кыһыйар тыаа, ыт дуу, туох дуу ыйылыыра иһиллэрэ… Тиһэҕэр оҕо ытаан барара.
Икки нэдиэлэттэн ордук кэм ааспыта, мин бу дьиэни куортамнаабыппыттан кэмсинэн барьытым. Ыалларбын биирдэ да көрсө илик эрээрибин, өлөрдүү абааһы көрбүтүм. Кэлин тиһэҕэр түөрт чааһы быһа тохтоло суох тугу эрэ тоҥсуйан тобугураатыттан кыйаханан адьас салҕалас буолбутум. Сарсыарда хайаан да ыалларбар тахсан айдаарарга быһаарыммытым. Халлаан сырдаабыта, эр хааммын ылынан үөһээ этээскэ тахсыбытым… Таах да тахсаммын… Үөһээҥҥи кыбартыыра иччитэх этэ… Онно ким да олорбото…
Мин уокка оҕустарбыт курдук буолбутум, баттаҕым турарга дылы буолбута, тыыным хаайтара сыспыта. Уйа-хайа суох ытыахпын баҕарбытым, тута ийэбэр эрийэн аймалҕан бөҕөнү тарпытым. Дьонум сонно кэлэн көһөрөн ылбыттара. Итини тылынан ойуулуур кыах суох, муостаны кыһыйар тыас билигин да иһиллэргэ дылы. Утуйа сытан наар баттатар буолбутум. Билигин төрүппүттэрбин кытары олоробун. Соҕотоҕун олоро үөрэммит киһи кыра оҕо курдук буоллум, хас тыас ахсын дьиигиҥнии сылдьабын. Уйулҕам хамсаабыта аны хаһан да урукку чөлүгэр түспэтэ болуо. Ол дьиэ үөһээ этээһигэр ким да суоҕун билэт буоламмын үс нэдиэлэ тыаһы-ууһу, оҕо ытыырын истэ-истэ олорбуппун санааҥ көрүҥ.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 18:27

Түүйэр хаартыска.

“Киэһээҥҥи Дьокуускай” хаһыакка хаһан эрэ массыыналарга уматык кутар сир таһыттан кыыс өлүгүн булбуттарын туһунан суруйуу тахсыбыта. Ол кыыс хаартыскаҕа түһэрин наһаа сөбүлүүр, биирдэ оннооҕор онньоон өлө сытар курдук хаартыскаҕа түапүттээх эбит. Өлүгүн булууларыгар үүт-үкчү ол хаартыскаҕа дьиҥнээх буолуохтаах түгэн түһэн хаалбыта болуо дуо? Санаан көрдөххө, хаартыска диэн хордуон лоскуйа буоллаҕа дии, ол эрээри хаартысканан көрөн кырыыс ыытыахтарын эмиэ сөп.
Биир ыалга уолларын истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыската эмискэ умайан тахсыбыт. Дьэ, оннук туран эрэ туохтан умайбыта биллибэккэ, хара хоруо буолан хаалбыт. Ситэ икки чаас буолбатах, суол быһылаана буолбутун туһунан биллэрбиттэр. Массыына харсыһыы күүһүттэн умайан кытыастан тахсыбыт. Ол уол массыынатыттан кыайан тахсыбакка уокка былдьаммыт. Хаартыска биһиги ис күүспүтүн,иэниэргийэбитин иҥэринэрэ болуо дуо?. Эбэтэр фотоаппарат куппутун түһэрэн ылара дуу?
Биһиги куораппытыгар үчүгэйдик билэр дьоммут олохторугар буолбут түбэлтэни өйдөөн кэллим даҕаны, ама дьылҕабыт барыта эрдэттэн суруллан турара буолуо дуо диэн санааҕа кэлэбин. Эбэтэр куппут-сүрбүт өлөрбүтүн эрдэттэн сэрэйэрэ дуу? Аҕаларын үбүлүөйүгэр дьиэ кэргэн барыта хаартыскаҕа түспүттэр. Хаартыскалар бэчээттэммиттэрин кэнниттэн көрбүттэрэ, хас оүһэрии ахсын биир уолларын иһигэр үрүҥ бээтинэлээх буолан тахсыбыт. Арааһа, куһаҕан хаачыстабалаах пленка түбэспит дии санаабыттар. Аҕыйах сыл буолаат, ол уолу дьиэтин подъеһыгар быһаҕынан искэ анньан өлөрбүттэр. Баҕар, биһиги дьылҕабытын бэйэбит прогламмалаан кэбиһэрбит болуо дуо? Өйгөр оҥорон көрбүтүн илэ туолар дииллэрэ кырдьык буолаарай. Хабарҕаҕар быһаҕы эбэтэр бистэлиэти чэчэйгэр тирээн туран хаартыскаҕа түһэр сатаммат диилэр ээ. Күлүөххүтүн сөп эрээри, “Пункт назначения” диэн киинэни санааҥ эрэ.
Мин дьүөгэбиниин дьээбэлэнэн, кини балтын уруутугар сотору ким эргэ тахсарын билгэлээн, үөһэ бырахпыт сибэккилэрин дьөрбөтүн хабан ылбытын туппутунан, наһаа санарҕаабыт көрүҥнээх турарын хаартыскаҕа түһэрбиппит. Сотору кини, кырдьык, ыал буолбута эрээри, олохторо табыллыбатаҕа. Кэргэнниниин сыл устата олорбут кэмнэригэр мин кини мичэрдиирин биирдэ да көрбөтөҕүм. Ама, түбэһии буолуо дуо?
Мин хаһан эрэ замоктарга үөр олохсуйуутун төрүөтэ туохтан буолуон сөбүн ырытан суруйбут кинигэлэри аахпытым. Онно үөр үксүн хартыыналартан түһэрин туһунан суруйбуттар этэ. Ону худуоһунньук мэтириэти уруһуйдууругар хартыынаҕа киһи энэргиятын көһөрөр, өссө онно бэйэтин энэргиятын эбэр диэн быһаарбыттар этэ. Оннук энэргия иҥэриллибит хартыыната “тиллэн” кэлэн, дьону куттуон да сөп. Ол иһин орто үйэтээҕи үөрдэр күн бүгүнүгэр диэри баар болуохтара буолуо. Оттон хаартыска син биир хартыына буоллаҕа дии. Ити мин тус бэйэм санаам.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 18:30

Былыр, 19 үйэ саҕаланыыта, олоро сылдьыбыт сэниэ ыал туһунан маннык үһүйээн баар

Бастакы түбэлтэ

Былыр, 19 үйэ саҕаланыыта, олоро сылдьыбыт сэниэ ыал туһунан маннык үһүйээн баар. Бу ыал эбэлэрэ, бүдүгүрэ кырдьыбыт Алтахтыыр Алааппыйа биир күн дьиэлээхтэр суохтарына хотонугар тахсан, моҥнон өлбүт. Өлүөн иннинэ бу эмээхсин мэнэрийэн, кутуран тииһигирэр идэлэммит. Тииһигэ киирдэҕинэ: «…арҕаа диэкиттэн ааһан иһэр абааһы аймаҕым бардыбыт диир даа…» — диэн тыллаһар эбит. Бастаан дьоно аахайбакка гынан баран, кэлин куттанар буолан барбыттар уонна чугастан биир соччо-бачча үөргэ, абааһыга сыһыана суох ойууну көрдөһөн-ааттаһан кыырдарбыттар. Ойуун кыырбыт да, буулаабыт абааһыны кыайан үтэйбэтэх. Ити кэннэ дьиэлээбит, тиийэн суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар гына ыалдьыбыт. Оттон эмээхсини үөр бэйэтигэр тиийиннэрэн илдьэ барбыт. Ойуун көрүүлэммитинэн, бу ыал урут бэйэтигэр тиийиммит чугас уруулара киһи сиэр-туом быһыытынан харайыллыбакка үөр буолбут уонна бэйэтин сыдьаанын илдьэ барбыт үһү.

Иккис түбэлтэ

Эдэр ыал аҕата, суоппар киһи, ардахтаах күн ыраах айантан дьиэтигэр эргиллэн иһэн, массыыната халтарыйан түҥнэстибит. Эрэйдээх улаханнык эчэйэн өрүттүбэккэ, үс уу кырбас оҕотун тулаайах хаалларан өлөөхтөөбүт. Бу кэннэ ыал ийэтэ хас түүн аайы кэргэнин түһээн көрөр идэлэммит. Киһитэ туох да буолбатаҕын курдук, үөрэ-көтө сылдьар буолар эбит. Дьонун суохтаабытын, оҕолорун ахтыбытын кэпсиир, миэхэ кэлиҥ диэн, үүйэ-хаайа тутар. Дьахтар бу туһунан ыал эмээхсинигэр кэпсээбитигэр, сыттыгыҥ анныгар биилээхтэ угун диэн сүбэлээбит. Ол сүбэни толорбутун кэннэ бокуонньук эрин балай эмэ көрбөккө сылдьыбыт. Арай туран, биирдэ эмиэ түһүүр: кэргэнэ элэ-была тылын этэн, кинини үүрбэтигэр, «урут тыыннаахпар таптыыр эбит буолларгын миигин аһын, бииргэ буолуох» диир. Дьахтар кэргэнэ өлбүтүн чуо билэр буолан, хата, аккаастанар. Сүрдээҕин куттанан-уолуйан уһуктар. Түүл түүлүнэн хаалыа эбитэ буолуо да, аны аҕыйах хонон баран, арыый да обургу уола: «Аҕам тыыннаах ээ, миигин кини куруук көрөр, маныыр. Эн тоҕо кинини ыраах барбыта, өлбүтэ диигин?» – диэн соһутар. Дьахтар оҕо тылын аахайбатаҕа буола сатыыр да, онто дьикти кэпсээнин сотору-сотору хатылыыра үһү. Ол иһин огдообо барахсан табыллымына, ити дьиэтиттэн буолуохтааҕар атын кый ыраах бөһүөлэккэ көһөн барарга күһэллэр. Ол куотан да быыһамматах. Син биир түүлүгэр көстөрүн иһин, аал уокка айах тутан, улаханнык көрдөһөн-ааттаһан эрэ баран утуйар идэлэммит. Кэлин дьон сүбэтин ылынан, дойдутугар төннөн кэргэнин уҥуоҕар тэтиҥ тоһоҕону астарбыт. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн бокуонньук кинилэртэн арахпыт.

Үһүс түбэлтэ

Айан суолун кытыытыгар олохтоох ыал мааны кыыстара, эргэ барар сааһын ситэн баран эмискэ ыалдьан өлөн хаалар. Төрөппүттэрэ хаарыаннаах күҥҥэ көрбүттэрин аһыйан бэркэ ытаабыттар-соҥообуттар. (Сахалар киһи өллөҕүнэ, мээнэ айманары, ытыыры-соҥууру буойаллар этэ. “Өлүөхсүт дууһата чугас дьоно наһаа хараастарыттан барыахтаах сиригэр барбат» диэн буолара.) Эргэ барбакка эдэр саастарыгар суорума суолламмыт кыргыттар орто дойдуга үөр буолан сылдьаллар үһү. Бу кыыс кутун сир ийэ ылбакка үөр буолан айан дьонун куттуур идэлэммит. Ордук ойоҕо суох, сулумах дьон бу суолу быһа охсон ааһалларыттан куттаналлар эбит. Биирдэ орулуур отут сааһыгар диэри ойох диэни билбэтэх Көстөкүүн Сүөдэрэп диэн киһи, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, суолуттан туораан, чуо бу сиринэн ааһар «дьолломмут». Кыыс үөрүн туһунан бу киһи син үһү-таамах курдук истэрэ эбитэ үһү да, соччо суолта биэрбэккэ маҥан чуоҕур атынан аа-дьуо айаннатан испит. Арай ол айаннатан истэҕинэ ата туохтан эрэ сиргэнэн, иҥэрсийэн ыла-ыла өрө мөхсөн барбыт. Көстөкүүн атын мөҕө иһэн, кэннигэр киһи мэҥэстибитин курдук ыйааһыннаах туох эрэ олорсон иһэрин билбит. Сэрэнэн, хайыһан көрбүтэ, бэрт мааны таҥастаах-саптаах кэрэ бэйэлээх кыыс оҕо кырыыбалыы олорон, мэҥэстиһэн иһэр эбит. Көстөкүүн, төһө кыалларынан билбэтэҕэ буола-буола, атын ыксатан, кымньыылаан ыла-ыла бөтөрөҥнөтөн испит. Ол курдук төһө өр айаннаабыта эбитэ буолла, хонук ыалыгар тиийэн туох буолбутун дьиэлээх оҕонньорго аргыый сипсийэн кэпсээбит. Анарааҥҥыта атын айылгылаах ойох буолан сүктэн кэлбитин сэрэйбит уонна эдэр киһини ойуунунан үтэйтэрэригэр сүбэлээбит. Ити кэпсэтии итинэн хаалбыт. Көстөкүүн ойууннана-таймалана барбатах. Кэлэр сылыгар улаханнык ырбыт-дьүдэйбит, бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах киһи саҥатыттан маппыт. Ол курдук уонтан тахса сыл олоро сатаан баран, моҥнон өлбүт. Олорбутун тухары кэргэн ылыахтааҕар буолуох дьахтар диэҥҥэ ончу чугаһаабатах.

Төрдүс түбэлтэ

Киһи эрэ үөр буолбат эбит. Торбос, кулунчук абааһыта үөр буолан ыалы ыалынан эһэрин туһунан кэпсииллэр. Ол курдук торбос абааһыта буулаабыт ыалыгар хороҕор муостаах турбат буолар эбит. Оттон кулунчук үөрэ буулаатаҕына, дьөһөгөй оҕото кэхтэн барара үһү.
Былыр, саха сис ыалын баайа сүөһүнэн, сылгынан мээрэйдэнэрин саҕана, Топпоттор диэн ааттаммыт ыал хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн сытыйа байан олорбут. Бу ыал баайдарын аанньа киһи сиэрин таһынан куһаҕан майгылаах-сигилилээх дьон эбит. Ол курдук харахтааҕы утары көрдөрбөккө, тыллааҕы утары этиппэккэ киэптээн-киэбирэн ахан олорбуттар. Кыра дьону наар атаҕастаан, балыйан баайдарын эбии хаҥаталлара үһү. Ол да буоллар сэттэрэ туолан кинилэр да кэһэйбиттэр. Биир дьыл муспут баайдара, сүөһүлэрэ-сылгылара кэхтэр аакка барбыт. Бу ыал ыксаан Хаан Айыы ойуунун ыҥыртаран Ынахсыт тартарбыттар, Дьөһөгөйгө ытык ыстарбыттар. Ол да кэннэ уруккуларын курдук чэчирээн барбатахтар. Сүөһүлэрэ, сылгылара аата-ахса суох төрүүр эбит да тута өлөн-сүтэн, баранан иһэр эбит. Бу ыал ыксаан, эмиэ ойуун ыҥыран кыырдарбыттар. Онтулара кыыран баран, маннык диэн көрүүлэммит: «Эһиэхэ торбос, кулунчук үөрэ бөҕө тоҕуоруспут… үүрэ сатаатым… төннөн кэлбэтэхтэринэ, син ыал сиэринэн олоруоххут. Торбоскут үөрэ туттарбакка сордоото, арҕаа диэки өкөгөр тиит мас үүнэн турарыгар чороччу кэлгийэн кэбистим». Ити кэнниттэн бу ыал олоҕо сыыйа көнөн барбыт. Майгылара-сигилилэрэ, дьоҥҥо сыһыаннара да киһитийбит.

Бэһис түбэлтэ

Мунан өлбүт киһи дууһата орто дойдуга хаалан үөр буолбутун туһунан маннык үһүйээн баар. Отучча сыллааҕыта куобах үүрэ диэн ааттаан, биир кыра дэриэбинэ эр дьоно тыаҕа тахсыбыттар. Кинилэри кытары биир хаһан да булт эҥин диэҥҥэ кыттыспатах, хараҕынан мөлтөхтүк көрөр Сиимэн диэн саас ортолоох киһи барсыбыт. Балайын билэр буолан, кинини тоһуурга туруорбакка үүрүүгэ ыыппыттар. Ол курдук былааннаан куобах күрэҕин саҕалыыллар. Тиһэҕэр мустуу буолбутугар биирдэ өйдөөбүттэрэ, киһилэрэ суох эбит. Хаһан сүппүтүн ким да билбэт буолан биэрэр. Ол киһини биэс түүннээх-күн көрдөөбүттэр да – көстүбэтэх. Сэмээр, баҕар, өлүгүн булчуттар булуохтара диэн кэтэһэллэр эбит. Кэнникинэн олох да умна быһыытыйбыттар. Арай биир кыһын дэриэбинэҕэ дьикти сурах тарҕанар. Былатыан диэн киһи туһаҕын кэрийэ сылдьан титирик быыһынан элэҥнээн, киһи ааһан эрэрин көрөр. Онто хаамарын тухары уоһун иһигэр ытыыр-ыллыыр ыккардынан киҥинэйэрэ үһү. Былатыан хаһыытаан көрөн баран, киһитэ истибэтэҕэр кэнниттэн эккирэтэр. Чаас аҥаара оннук сырса сатаан баран Былатыан тохтуур. Сүүрэрин тухары тоҥуу хаары алдьатан испитин, иннигэр олох да тыытыллыбатах хаар сытарын, дьэ, өйдөөн көрөр. Хата, киһитэ кини буолан муммакка дьиэтигэр кэлбит. Ол сырсыбыт киһитэ дьылыгар сөбө суох халтаҥ таҥастааҕа үһү. Ити түбэлтэ кэнниттэн дьон ойуурга хам-түм биллибэт киһини көрбүт сурахтаахтар. Сорох батыһан муна сыспытын туһунан эмиэ кэпсиир. Ол, били, муммут киһи үөрэ буолуо диэн таайаллар. Мунан өлбүттэр үөрдэрэ киһини муннарар идэлээх дииллэр.

Алтыс түбэлтэ

  Сиэмэх ойуун үөрэ, абааһыта киһини сиир дииллэр, оччоҕо киһи өлөр. Сиэмэх ойуун күүһүн куһаҕаҥҥа эрэ туһанар. Кини сатаспатах киһитин хас да көлүөнэни нөҥүөлээн кыраатаҕына, бу киһи сыдьааннарын ойуун үөрдэрэ, абааһылара сиэн имири эһэллэр.

  Былыр ойуун, удаҕан олус ытыктанар кэмигэр биир сиэмэҕинэн аатырбыт ойуун олорбут. Кини кырыыр-таныйар үгэстээҕин иһин быһа “абааһы ойууна” диэн ааттыыллар эбит. Кинини хаһан да үтүө дьыалаҕа ыҥыран кыырдарбаттар эбит. Ойуун биир да уруута суох чороҥ соҕотох үһү. Аймаҕын барытын абааһыта сиэбитэ буолуо дииллэр. Дьэ, бу ойуун биир мааны ыал атаах кыыһын ойох ылаары тииспит. Кыыс дьоно куттанан, туох диэн утарыахтарай, сөбүлэспиттэр. Арай кыыстара туран, батынан кэбиспит. Онуоха ойуун өһүргэнэн маннык саҥалаах буолбут: “Сирэ-тала оонньообутуҥ, кэнникитин иэстэбиллээх буоллун, төрөтөр оҕоҥ түҥнэри төлкөлөннүн, кэскилиҥ кэнэҕэһин кэхтэн истин, уу ньуура кэрэ дьүһүнүҥ устар ириҥэ буолан тоҕуннун, омнуолуу көрбүт хараххын суор кыылым оҥо хаһыахтын…” Итинтэн да элбэҕи эппит-тыыммыт. Ити кэннэ кыыс эрэйдээх ымынах баас буолбут, көрөрө мөлтөөн олох да буорайбыт. Оҕо-уруу тэниппэккэ бу сиртэн күрэммит. Сиэмэх ойуун абааһыта сиэн бардаҕа.

  Өлүөхсүт сүгүн харайыллыбакка эбэтэр сиэр-туом тутуһуллубакка үөр буолан, дьону эрэйдээбитин туһунан үһүйээн элбэх. Онтон үксэ былыр, абааһыга, айыыга итэҕэл күүстээх, үөрэх, сайдыы суох кэминээҕилэр. Билиҥҥи кэмҥэ үөр буулаабытын туһунан түбэлтэ сэдэх. Баҕар, ити былыргы киһи хараҥатыттан, үөрэҕэ суоҕуттан ыарыыны, олоххо табыллыбаты барытын үөргэ, абааһыга күтүрүүрүттэн буолуо.

М. ИВАНОВА
2016 с.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 20:10

К Ү Л Ү К

Киэҥ Таҥарам абыраабыттаах

1969 с. биһиги төрдүө буолан Мархаттан 11 аҥаар көстөөх, Бүлүү уҥуор баар Ээдьээҥҥэ 200 субан сүөһүнү кыстата көһөн тахсыбыппыт. Бүлүү өрүс турарын кэтэһэн баран, лоп курдук Өктөөп бырааһынньыгын күн уҥуор туораатыбыт. Биллээх диэн саһыл фермата баар сиригэр хонон баран, түүн аҥаарыгар эрдэ туран салгыы айаннаатыбыт. Мантан Ээдьээн 7 аҥаар көс…
   Түһүөхтээх сирбит — эргэ баҕайы, көмүлүөк оһохтоох, киэҥ ампаар дьиэ. Түннүгүн алын бүүрүгэр диэри сиргэ батары түспүт былыргы тутуу. Ол эрээри, туруга сэнэх буолан, дьон сылдьар, кыстыыр эбит. Хата, сабыс-саҥа, былырыын тутуллубут хотонноох. Дьиэбитин сыбаан баран, кыстыырдыы оҥоһуннубут. Хата, ичигэс баҕайы. Дьиэбит таһыгар улахан баҕайы гына оҥоһуллубут киһи уҥуохтара туох эрэ кистэлэҥи таайтарбыттыы боруһан тураллар.
   Күһүн онтон-мантан булчуттар кэлэн хонон, бултаан ааһыталыыллар. Арай, биирдэ кырдьаҕастаах эдэр булчут аҕыйах хонукка биһиэхэ сытан бултаатылар. Үгэс курдук, киэһэ утуйаары сытан эҥин арааһы ыатаран кэпсэтэбит. Кырдьаҕас булчут биирдэ манныгы кэпсээтэ:
   — Мин оччолорго эдэрчи этим. Биир кырдьаҕас кыттыгаспын кытта бу эргин бултуу сылдьан бу дьиэҕэ аҕыйах хонон ааспыттаахпыт. Ол саҕана бу дьиэ сыһыары тутуллубут хотонноох этэ, ол билигин суох, онно киирэр аан ити турар (инньэ диэн баран мин сытар оронум баһыгар баар, билигин хам сааллан турар аан оннун ыйда). Иччитэх турар дьиэҕэ кэлэн мас мастаан оһохпутун оттон тигинэттибит. Күөс, чэй өрүнэн, чүмэчи уонна көмүлүөк сырдыгар тииҥ сүлэ, ыраастыы, тиирэ олордубут. Маһа үчүгэйэ бэрт буолан, көмүлүөкпүт сандаарыччы умайан күлэ-сала турда. Арай, бу олордохпутуна, хайдах тахсарын чопчу көрбөккө хаалбыппыт, хотонтон тахсыбыт курдук биир дьахтар баар буола түстэ. Биһиги иккиэн “хайа, киһи баар эбит дуу?” дии санаатыбыт. Мин баҕас олус куттанным. Дьахтарбыт уокка чугаһаата. Маҥан былааты бобуонньуктуу бааммыт, халтаҥ хара куопталаах, уһун соҕус ырбаахылаах, биһиги диэки көрбөккө эрэ икки илиитин уот диэки уунан иттэр курдук турда. Бу туран: “Үчүгэй да уоту оттубуккут, иттэн абыраннахпын”, — диэн саҥа аллайда. Элэс көрүүгэ, хайдах эрэ кырасыабай баҕайы дьүһүннээх курдук көстөн хаалла. Дьахтарбыт киһилии саҥарбытын уонна налыччытын иһин, киһим өмүттүбүтэ ааһан: “Эн, бу, ханнааҕыгыный, хантан кэллиҥ?” — диэн ыйытта. Дьахтарбыт турбалыы түһэн баран: “Ээ, маннааҕыбын, хантан буолуой?” — диэн унаарытан саҥарда. Ити кэмҥэ туохха эрэ аралдьыйан атыны көрөн ылар кэммитигэр, дьахтарбыт ити хотоҥҥо киирэр аан диэки барар курдук гынан баран, сүтэн хаалла. Онон, хотоҥҥо киирбитин да чуолкайдык көрбөккө хааллыбыт. Мин баҕас, дьэ, букатыннаахтык ыбылы куттанным. Киһим, хата, соччо куттаммата. “Ити киһини куттаабат, куһаҕаны оҥорбот, көннөрү сибиэн, букатын куттаныма”, — диэн кэбиспитэ.
   Киһибит кэпсээн бүппүтүн кэннэ, биһиги ону хайдах эрэ олус өрдөөҥҥү быһылаан диэбиппит дуу, ханна эрэ атын сиргэ буолбут түбэлтэ дии санаабыппыт дуу, элбэх буолан олорон куттаҕаһа суох дьон аатыраары арааһы тыллаһан бардыбыт. “Тоҕо бэрдэй, доҕор! Оннук кырасыабай дьахтар киирэн кэлэрэ. Эчи хаарыаны… Үчүгэй да буолуо эбит. Дьиэттэн-уоттан ыраатан сырыттахха ол кини сибиэнэ туох буолуой…” эҥин диэн тылга тиистибит. Дьоммун саҥардаары уонна билбэт дьоммор киһиргээн, үксүн мин чобуорхайабын. Бэйэм дьонум мин курдук дьаабыламматтар, симиктэр. Булчуттар сэҥээрэллэр, ол аайы мин киһиргээн өрө баран иһэбин.
   Ол онон ааста. Саҥа дьыл чугаһаата. Мин от тиэйэр тыраахтарынан дьиэбэр киирэн, нэдиэлэ буолан, таарыйа уотурба тиэйэн таһаардыбыт. Бу кэлбитим кэннэ биир киһибит, Арамаан, ыалдьан сытан хаалла. Хотоммутугар Хоруотаан Сэмэнниин иккиэйэҕин сырыттыбыт. Иккиэйэх киһиэхэ, дьэ, элбэх үлэ. Саахпыт күрдьүүтэ, тиэйэн таһаарыыта, хотоҥҥо турар сүүрбэччэ куһаҕан сүөһү туспа көрүүтэ, уулатыыта, от тиэйиитэ, тарҕатыыта, үс ойбон алларыыта, сүгэнэн оттук мас бэлэмнээһинэ… Саатар, тымныыта бэрт.
   Арамааммыт сыппыта үһүс күнэ буолла. “Икки ойоҕоһум ыалдьар” диир, ынчык-хонук бөҕөтө. Саатар, туох да эмп суох, баарын да иһин онон сатаан эмтээбэт дьоммут. Бытыылкаҕа итии уу кута-кута ойоҕосторугар баайабыт да, туһалаабат. Эбии бэргээн иһэр. Тугу да аһаабат, уунан күөмэйин эрэ илитэр. Саатар, бөһүөлэккэ барбыт Чочо Уйбааммыт хаһан төннөрө биллибэт. Икки өттүнэн ойоҕостотуу кутталлааҕын билэбит, онон “киһибит аны эҥин-дьүһүн буолан хааллаҕына, тыл-өс буола сылдьыа. Бөһүөлэккэ киирэн тыллаатахпытына сатаныыһы” диэн быһаарынныбыт. Саатар, аттарбыт табаттан сиргэнэн күөл уҥуор куотан хаалбыттара. Онон акка саарабыл суох. Сүбэлэһэн баран, Хоруотаан Сэмэним барар буолла. Кырдьык, кини түргэнник хаамар, оттон мин “ыстаарсай” ааттаах киһи ферманы быраҕан барарым табыллыбат. Киһибэр аара Биллээххэ саһыл ферматыгар сылдьан, араассыйанан Ньурбаны кытта сибээстэһэн, сан-эриэйсэ оҥортороругар эттим. Хоруотааным хоонньугар икки бытыылка чэй, биир кырбас буспут эт, муос лэппиэскэ уктан, туоһапкатын кириэстии сүгэн баран элэс гынан хаалла. Арамааным турар кыаҕа суох, “ойоҕоһум уоттуу салыыр” дии-дии сытар, тугу да аһаабат.
   Соҕотох киһиэхэ дьэ элбэх үлэҕэ хааллым. Киһим барбытын сарсыныгар бөртөлүөт тиийэн кэллэ. Үөрэн өлө сыстым. Ол эрээри, бөртөлүөтүнэн Мархаттан солбуйар үлэһит дьон кэлбэтэх. Ыксал бөҕөнөн киһибин өйөөн бөртөлүөккэ киллэрэн биэрдим. Бу айылаах үлэҕэ, бачча ыраах сиргэ соҕотоҕун хаалан эрэрбиттэн суҥхарбыппар, дьонум: “Чэ-чэ, кэлиэхтэрэ. Хата, Саҥа дьыллааҕы кэһиилэрин аҕалыахтара”, — диэн күлэллэр.
   Бөртөлүөт көтөн барбытыгар, собус-соҕотоҕун хаалан баран биирдэ курус гына түстүм. Эмиэ да киһим этэҥҥэ барбытыттан үөрэ саныыбын. Ол курдук, ыкса хараҥаҕа диэри үлэлээтим. Саатар, тымныыта бэрт. Киэһэ соҕотоҕун аһаан дуомнуу олорон, дьэ, били, бүгүһүн булчут кэпсээбит дьахтарын саныы түстүм! Ону кытта, уолуйан, чэй иһэ олорбут куруускабын кытта мүччү тута сыстым. Уҥуоҕум хамсыар диэри куттанным. Били сибиэн дьахтар киирэр-тахсар үгэҕин ааныттан хараҕым арахпат. Бу олорорбун туораттан ким эмэ көрбүтэ буоллар, “бу туох айылаах буолбут киһитэ олороруй?” диэн соһуйуо эбитэ буолуо. Абааһыны көрүөхтээҕэр буолуох, былыр үйэ охсуһан бүтэн хотторбут киһи курдук бодолоох буолуохтаахпын. Адьас, туох эрэ ойоҕоһуттан имнэммитин курдук ис-испиттэн тииһигирэн куттаммытым. Өй булан, нэһиилэ салбыҥнаан оһоҕум холумтаныгар тиийэн, туох баар билэр Айыыларбын, Таҥараларбын барыларын ааттаан туран, ол-бу куһаҕан сибиэни чугаһатымаҥ, эрэйдээх эмээхсин уолун аһын-харыһый диэн аал уоппун аһата-аһата дэлби ааттастым-көрдөстүм. Куттаҕас соҕус эрээри дьон баарыгар киһиргээн, үлүбүөй тылга тииспиппин кэмсиммитим иһин, билигин туох кэлиэй! Быһыы-майгы маннык эргийэн тахсыан ким билбитэ баарай? Утуйарбар били аан таһыттан тэйиччи, атын ороҥҥо көһөн утуйаары гынан баран, дьиэм-уотум иччитэ “миигин эрэммэккэ көһө сылдьаҕын дуо?” диэ дии санаан тохтоотум. Ити курдук дьик-дьах бастакы түүммүн этэҥҥэ хонон турдум, утуйдум дуу, суох дуу…  
   Дьэ, ити курдук үлэлии сырыттым. Дойдубуттан дьон кэлэрин испэр сэмээр кэтиибин да, кэлбэттэрин бүк сэрэйэбин. Бу Саҥа дьыл бырааһынньыга буола турдаҕына дьоннорун, дэриэбинэни быраҕан тоҕо манна кэлиэхтэрэй? Ол тухары, куттанарым ааспат. Биир киэһэ көлүнэр оҕуспун түүн доҕор оҥостоору дьиэбэр киллэрэ сатаатым да, букатын киирбэт. Төбөтүн быктара-быктара төттөрү түһэр. Хата, ааммын өр аһан дьиэбин дэлби тымныттым. Аны туран, оһоҕум уотун күүгүнэччи оттубаппын. Били дьахтар “үчүгэй да уоту оттубуккун”  диэн иттэ киирэриттэн куттанабын. Онон имик-симик уоттаах балаҕаным олус тымныы. Абааһы дьахтарын саныырым быыһыгар, санаам эрэ — сүөһүлэрбэр. “Бу икки сүүсчэкэ сүөһү тухары биир эмэ дьоллоох сүөһү баар ини. Ол дьоло тартаҕына, миигин туох да моһуоктуо суохтаах” диэн бэйэбин бөҕөхсүтэ сатыыбын. Мин моһуогурдум да, сүөһүлэрим эрэйдээхтэр эмиэ иэдэйэллэр. Инньэ гынан, олус харыстанабын, от тиэйэ сылдьан сыарҕаттан охтон илиибин-атахпын эчэтиэм, мас мастыырбар атахпын охсунуом диэн сэрэнэбин. Таһырдьаттан дьиэбэр киирэрбэр ааммар кэлэн тохтоон тэбэммитэ, сахсыммыта буолабын, көхсүбүн этитэбин. “Мин суох кэммэр дьиэм иһигэр “ким эрэ” хаһаайынныы сылдьар буоллаҕына, кэлбиппин билэн оннун буллун, састын, көстүбэтин” диэн. Ол былаһын тухары Киэҥ Таҥараны ааттыырбын тохтоппоппун.
   Арамааным барбыта алта хоммутун кэннэ, сэттис түүммэр, ол тохсунньу 6-с күнэ үүнэр сарсыардата, ыраах тыраахтар тыаһа куугунуурун иһиттим. Туран уоппун оттон таһырдьа тахсан иһиллээбитим, чахчы, тыраахтар иһэр эбит. Мин үөрүүбүттэн, арааһа, ытаабытым быһыылааҕа. Өр буолбата, ДТ-75 барахсан бу лаһыгыраан кэлэн дьиэм таһыгар хорос гынна. Таһырдьаттан тырахтарыыс Куурай: “Хайа, доҕор, тыыннааххын дуо, оһоҕуҥ буруолуурун көрөн, хата, мин үөрдүм”, — диэбитинэн киирэн кэллэ. Кинини кытта Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарын дьаара ситэ сайҕана илик үс киһи киирдилэр. Бэйэм дьоммуттан Чочо Уйбаана баар.
   Дьэ, ити курдук биир Саҥа дьылы Киэҥ Таҥарам араҥаччылаан сылдьан көрсүбүттээҕим. Хата, онно да, кэлин да туох да биллибэтэҕэ. Дьиҥинэн, соҕотоҕун олордохпуна туох эрэ харахпар көстүбэккэ эрэ имнэнэн дэлби куттаабыта, үөрэппитэ быһыылааҕа.  Онтон бэттэх үлүбүөй киһиргээн ону-маны тылласпат буолбутум. Эдэр дьоҥҥо эмиэ оннугу сүбэлиэм этэ.
 
Христофор Илистянов,
Ньурба, Марха.

Made with ❤ by Kali 🤖

Бу группаттан ылыллынна:
https://chat.whatsapp.com/COof9mk0MQK50OxhbPcTxW

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 20:12

💀 ИЧЧИЛЭЭХ МАС 💀

( хараҥа хос ).

Бу 1947 сыл сааһыары Хаҥалас улууһун Хачыкаат нэһилиэгин " Буотама"учаастагар ,Буотама үрэх өрүскэ түһэр силбэһиитин сиһигэр,мас кэрдээччилэр дэлээнэлэригэр буолбута.
Дэлээнэ арҕаа өттө өрүстэн тахсар үрүйэ төбөтүн хабара. Ол иһин ити үрүйэ тардыыта ат көлөннөн мас тиэйээччилэргэ үгүс ыарахаттары үөскэтэрин бары этибит да,бу сиргэ үүммүт мас үчүгэй туруктааҕа биһигини ымсыырдан,мас кэрдээччи Лэгэнтэй Анисимовы үрүйэ иһин диэки угуйа турбута. Биир үтүө күн мас кэрдээччилэр биригэдьиирдэрэ Анисим Санниковы көрсүбүппэр оҕонньорум:

  • Мас тиэйээччилэр биригэдьиирдэрин Елисееви көрсөн эт. Үрүйэ иһигэр кэрпит мастара өрө состорон,тиэйэллэригэр олус эрэйдээх. Онон аны салгыы кэрпэтиннэр,Лэгэнтэйи үрүйэ иһигэр сискэ тахсан кэрдэригэр дьаһалла ыл, - диэтэ. Илдьитин мин Лэгэнтэйгэ тиэрдибиппэр,сарсын - өйүүн көһөн тахсыам диэн эрэннэрдэ.
    Ити кэнниттэн үһүс күнүгэр эбиэт кэнниттэн Лэгэнтэйдээх мас кэрдэр сирдэригэр бүтэһик мастарын тутаары,көһүөхтээхтэрин туһунан сэрэтээри тиийбитим: дьонум эрбиилэрин,сүгэлэрин ыһан баран олорор бараак дьиэлэригэр баран хаалбыттар. Тоҕо маннык эрдэлээбиттэрин билбэт буоламмын,мастарын соҕотоҕун тутаат ( клеймо ууран) эмиэ кинилэр сылдьар орохторун устун баран иһэн көрдөхпүнэ орох икки өттүн дэлби мочоолообуттар. Ону мин бу эдэр дьон оонньоһон хаары оймообуттарыгар холуйдум. Лэгэнтэй мас мутугун хомуйааччыта Горнай оройуонуттан сыыппараҕа кэлбит Үлүксээс диэн кыыс этэ. Оччолорго дьону - сэргэни сэриигэ ыытаннар,судаарыстыбаннай былааны толороору кырдьаҕастар уонна эдэр кыргыттар эрэ кэлэллэрэ.
    Бараак дьиэ ааныгар кэлэн хаарбын тэбэнэ турдахпына киһи саҥата:
    " Эриэн ситиибин аҕал", - дии - дии энэлийдэ. Киирэн истэхпинэ Лэгэнтэй утары тахсаары балааскайдаан миэхэ кэтиллэ түстэ. Соһуйан,нэһиилэ тутан ылан оронугар илдьэн сытыардым уонна:
  • Бу киһи туох буолбутуй? Тугу эрэ баллыгырыыр да,киһи тугу да сатаан быһаарбат, - диэтим. Онуоха Санников оҕонньор:
  • Киһибит сахалыы ыалдьан кэлбит,арааһа,иччилээх маһы кэрдибит быһыылаах. Олус айдаарымаҥ, - диэн сэрэттэ. Өйдөөн көрбүтүм,киһибит сирэйэ - хараҕа олус турбут,көлөһүн бөҕө тахсыбыт. Оронугар мөхсө сытан тугу эрэ саҥара сатыыр курдук. Бииргэ олорор дьоно бары ороннорун булбуттар. Куттаммыттара сүрдээх. Арай Балбаара Толстоухова диэн Мэҥэ Хаҥалас эмээхсинэ этэрбэһин устан,онтон сиэл унньалааҕын ороон,ынах арыытыгар былаан,уокка биэрэ - биэрэ,алгыы олордо.:
  • Алаһа дьиэ иччитэ Аан Алахчын эдьиийбит хотун,аал уоппут иччитэ Бырдьа Бытык,күл тэллэх,көмөр суорҕан Тойон эһэбит,сир - дойду иччилэрэ силис аннынан сибигинэспит уолаттар - бука бары кэлэн аһааҥ - сиэҥ,уос - тиис тииһиниҥ. Эһиги көй - көс уоруккутун үлтү тэпсибит суох,үүнэр маскытын кэрпит да буоллахпытына биһиги буруйбут суох. Үрдүк дьиэлээхтэр,толору былаастаахтар ыйаахтарын толоробут. Кыамматтаргытын кыһарыйымаҥ,аччыгыйдаргытын аһыныҥ. Уоттаах хараххытын халбарытыҥ,тэйиччиннэн суолланыҥ, - дии - дии харса суох уотун аһатта.
    Бу алгыһы ылыммыт курдук Лэгэнтэйбит өрө мөхсөрүн тохтотон,баттаҕын ыһан баран,икки илиитинэн таһына - таһына өрө ыстаҥалаан мэнэрийэн барда. Саҥарар тыла - өһө үчүгэйдик иһиллэр.
  • Мин обургу арҕаа хайа атыыр таас ойууна атаҕастанаммын,аанньаннан арахсыбат санааны ылынан дьиэҕит оһоҕун үөлэһинэн таҕнары көрөн сытабын. Эһиги обургулар быйыл кыһын мин үрүйэбинэн уһаты - туора хааман,сүүрэн,ыйдаан - хайдаан,ыллаан - туойан ахан биэрдигит. Өссө ыалдьыбыт киһигитин быыһаары дэриэбинэҕэ киирэр санаалаах олороҕут. Киирэ да сорунумаҥ,киириэххит да биир кэбирэх соҕус ыйаахтааххытын хонууга охторон баҕалыы сыылларыам, - дэтэр. Биһиги бу иннигэр, кырдьык,оҕус таһааран Лэгэнтэйи тиэйэн дэриэбинэҕэ киллэриэх баара диэн кэпсэппиппит. Онтукпутун курдары этиттэрэммит,кутталбытыттан кутуйах ороҕун кэҥэттибит. Онтон салгыы этэр:
  • Эн охторбут мастарыҥ мин маспар кэлэн сыбана түстэхтэрин аайы,куһаҕан сыты ыытар этим,ону эн салгыны сытырҕалаан билбитиҥ. Онтон мин маспын охторордуу кэлэн истххинэ,сирэйиҥ тириитин үмүрү тутаммын " имэрийэн" биэрбитим. Ону эмиэ билбитиҥ,сирэйгин илиигинэн имэрийэн үмүрүччү тартарбыккын көннөрбүтүҥ. Ол кэннэ салгыы маспын кэрдэн барбытыҥ. Маҥнайгы охсуугар сүгэҥ үөһэ аһыыта ойо ыстанан түспүтэ,онтон иккис охсуугар эриэн ситиибин быһа охсубутуҥ кэннэ кыһыл уот тахсыбыта. Ону эмиэ икки хараххынан илэ көрбүтүҥ эрээри,бэйэҥ күүскэр эрэнэҥҥин,мэник санааҕын тумулук туттан тохтообокко,охторон түһэрэҥҥин,кэрдэн барбытыҥ.
    Мин обургу бэйэлээх сууллан түһэрбэр,эйигин анныбар саба баттыам диэбитим да,эдэриҥ баһыйан куота көтөн истэххинэ,саатар дьоройор сотоҕун тосту охсуохтаах этим да,ыйааһынын чэпчэкитинэн туһанаҥҥын,охсуу күүһүгэр эһиллэн баран бүтүн хааллыҥ. Дьэ,ол да буоллар мин эйиэхэ үйэҕэр умнуллубат бэлиэлэри хаалларыам, - диэмэхтиир. Ити курдук икки чаас кэриҥэ мэнэрийэн,муҥур уһугар кэриэс - хомуруос тылын этитэлиир:
  • Хоммут уоспун хоннордугут,өрөөбүт уоспун өһүллүгүт,аптаах агыскытынан айах тутан аһаттыгыт. Кэскиллээх тылгытынан кэп туоннугут,өйдөөх тылгытынан өҥө оҥоһуннугут. Ол да буоллар тоҕус тоҕойдоох дорҕоон айан суолун биир тоҕойугар,кэрээнэ суох киһиэхэ соҕотох айаннаан истэҕинэ,дүҥүрдээх былаайахпын туппутунан,утары тахсан илэ бэйэбинэн,,чахчы дьүһүммүнэн көстүөҕүм. Оччоҕо кутталыттан,үс кутуттан биирэ ( салгын кута) куотуоҕа. Орто дойду охсор салгынын уйбат,ыарыы - сүтүү аргыстаах олоҕу олоруоҕа. Ити мин киниэхэ оҥорор бастакы түгэним
    Иккиһинэн. Мин маспын кэрдибит сэпкитин сытар миэстэлэриттэн тыытымаҥ. Бэйэм дьаһайыам.
    Үсүһүнэн. Маһым оннугар маста олордон бараҥҥыт эриэн ситиибин оннугар түһэриҥ. Бу этиллибит бэлиэтээһиннэрим тоҕус хонук туолуутугар оҥоһуллуох тустаахтар. Туолбатаҕына бэйэҕититтэн сиппэтэхпинэ,бэдэргититтэн ситиһиэм. Орто дойдуга олороргут тухары умнуллубат бэлиэлэри хаалларыам, - диэт Лэгэнтэйбит дьэ уурайан,аматыгар түһэн оронугар олордо.
    Кинини көрдөххө,сылайыы бөҕөнү сылайбыт. Көлөһүнэ сарт түспүтэ ырбаахы нөҥүө көстөр. Туох да саҥа - иҥэ суох. Тугу да эппитин - тыыммытын билбэт быһыылаах. Дьиэ иһинээҕилэр бары салламмыт ороммутун булан утуйдубут.
    Сарсыныгар Лэгэнтэй Буотама төрдүгэр,олорор ыалыгар,сүбэ - ама ыла киирдэ. Уоннааҕылар дэлээнэлэригэр ыар сүгэһэрдээх,хобдох санаалаах үлэлии таҕыстылар. Үлүксээс дэлээнэтигэр соҕотоҕун баран хаалбыт мутугун хомуйан уоттуу сылдьан,били бөлүүҥҥү үлүгэр ойуун кэриэһин умнан кэбиһэн,мас төбөтүгэр мутук чоройон турарын ааһан иһэн сүгэ өнчөҕүнэн туора охсубут. Онуоха эмтэркэйэ буулдьа курдук уһууран кэлэн,аҥаар хараҕын үүтүн тэһэ тэбэн хараҕыттан маппыт. Ойуун эппит иккис бэлиэтэ ити курдук түмүктэммитэ.
    Ойуун үһүс кэриэһин туһунан Лэгиэнтэй миэхэ кэпсээбэтэҕэ,гынан баран уруккутугар тэҥнээтэххэ,хайа охсубут киһи аҥаара эрэ хаалаахтаабыт этэ. Ол да буоллар,ыйыталаһыым күүһүнэн кэпсээн турардаах.
    Соҕотоҕун айаннаан истэҕинэ били кэрдибит маһын ойууна суолга утары тахсан кэлбит. Кутталыттан ханна да барбытын - кэлбитин билбэккэ хаалбыт. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ ойууна суох үһү. Дүҥүрүн,кыаһаанын тыаһа ыраатан,сүттэр - сүтэн эрэрэ диирэ.
    Үлүксээстээх Лэгэнтэй ыал буолбуттара. Кинилэр ыарыһах буолбут дьылҕалара ойуун иччини иҥэрбит маһыттан тутулуктаммыта. Ол сири,үрүйэттэн тахсар сири билигин да олус салла дьулайа көрөбүн.

Илья Алексеев Кыыл Бастаах.

ВЛАДИЛЕН.
*Бүлүү Кыһыл Сыыр

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 20:14

УОТ УОННА ӨТӨХ ИЧЧИТЭ

Мин хайа баҕарар өтөх иччилээх диэни илэ бэйэбинэн билбитим! Ол курдук биир күһүҥҥү күн от мас хагдарыйбытын кэннэ дэриэбинэбититтэн 40 - ча км ыраах “Хотуйа” диэн үрэххэ кустуу - балыктыы диэн аҕабынаан уонна аҕам табаарыһа “Орбус” диэн киһини кытары баран истибит, үһүөн аттаахпыт.

Ол баран иһэн “Артамыйап” өтөҕүгэр кэтиллэ түстүбүт. Өтөх аттыгар олорон чэйдээтибит, Орбус эттэ: “Оо, бу өтөх ото уһаабыт аҕай” диэн баран уот бырахта! Олох сэтиэнэх от ынырыктык умайда уонна балаҕан диэки барда! Ону аҕам соһуйбуттуу эттэ: “Да балаҕаны уоттаатын дии!” Онуоха Орбус аргаайдык: “Өтөх бэйэтин көмүскэнэр дииллэр ди” - диэтэ. Уоппут олох өтөх аанын көрбүтүнэн барда өтөххө чугаһаатын кытары балаҕаммыт аана аһылла түстэ, уонна ынырык күүстээх салгын үрдэ, балаҕан иһиттэн, олох салгынын тыаһа ынырык “БУФ” диэн иһиллиннэ!Уоппут умуллан хаалла, биһиги соһуйан хааллыбыт, түргэн соҕустук хомуна охсоот аттарбытыгар “лып” гына олоро туһээт айан суолбутунан бардыбыт ол баран иһэн Орбуспут өр буолбакка эттэ: “Да, хайдах эрэ буоллум, умайаары гынным” - диэтэ. Киһибитин көрбүтпүт сирэйэ - хараҕа иһэн хаалбыт, кып - кыһыл буолбут, куттаммыт аҕай өллүм да өллүм диир! Ол курдук ыалдьан быраастар эҥин арааһынай диагноһы туруораллар этэ, чопчу диагноһа биллибэккэ оруобуна биир сыл буолан баран өлбүтэ… Иннэ гынан иччи диэн баар эбит!

Александр Егоров

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 20:15

Cаппыкы ситэн сиэбэтэҕэ…

Мин оҕо эрдэхпинэ, дойдубар эргэ таҥара дьиэтэ көтүллэн баран, тиэйиллибэккэ уһуннук сыппыта. Тоҕо эрэ, билигин санаатахпына, ол кэмтэн ыла абааһы үөмэхтэс буолбутун өйдүүбүн. Эргэ оскуолаҕа ийэм остуорастыыра. Биһиги, элбэх бииргэ төрөөбүт оҕолор, хардары-таары ийэбитигэр доҕор буола киэһэ ахсын оскуолаҕа барсабыт. Биир киэһэ мин барсар уочаратым кэлэн, аҕам оҥорбут оонньуур мас тыраахтар көлөтүн илдьэ бардым. Ийэм барахсан, оччолорго түөрт уон сааһын лаппа ааспыт дьахтар, уһун көрүдүөрү, хас эмит кылааһы сууйара. Мин ийэбэр көмөлөһөн паарта үрдүгэр ыарахан олоппостору уурсабын. Мин көрүдүөргэ оонньоон букунайа сырыттым. Ийэм кылаас иһин сууйар тыаһа иһиллэр. Оччолорго уот аны эрдэ баҕайы баран хаалара, биһиги уот баарына сууйа охсоору ыксыырбыт. Мин көрүдүөргэ чохчойон олорон, мас тыраахтарбын бирилэтэ сырыттахпына, арай, тыастаах баҕайытык киһи хааман кэллэ. Көрбүтүм, киирзэбэй саппыкылаах киһи эбит. Ким буоллаҕай диэн киһибин көрөөрү хантайбытым, доҕоор, киһим суох! Аҥардас саппыкы хааман кэлэн турар эбит. Тугу хаһыытаабытым эбитэ буолла, мас тыраахтарбынан күүскэ тамнаабыппын эрэ өйдүүбүн. Саппыкым тута суох буолан хаалбыта. Мин хаһыыбын истэн, ийэм барахсан балтыһаҕын туппутунан кылаастан сүүрэн таҕыста. Мин ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа ийэбэр тиийэн: «саппыкы баар, саппыкы!» диэн бобуллаҥныыбын. Ол кэмҥэ эмискэ аны уоппут баран хаалла. Хайыахпытый, куттанан дугдуҥнаһа-дугдуҥнаһа, эргэ оскуолаттан муостаны ситэ сууйбакка тахсыбыппыт. Ол сарсыҥҥытыгар ийэм оскуоланы сууйбатаҕын иһин быыгабардаммыта. Оҕом оскуолаҕа саппыкы көрбүт диэн оскуола дириэктэригэр кэпсээбитигэр, ийэбэр итэҕэйбэккэлэр, үлэтиттэн уураппыттара.
Мин кэлин улаатан оскуолаҕа киирбитим. Биир этээстээх эргэ оскуолаҕа үөрэнэрбиттэн олус куттанарым. Хаһан эрэ ол саппыкы ситэн ылара буолуо диэн дьиксинэрим. Баччаҕа кэлиэххэ, ол кэннэ туох даҕаны буолбатаҕа. Арай кэлин, 90-с сыллар ортолоругар биир билэр киһим, булчут ол саппыкыны көрбүтүн туһунан истибитим. Кинилэр оттуур алаастарыгар көстүтэлиир эбит. Биирдэ отторун бырысыапка тиэнэн айаннатан иһэн оҕолор хаһыыларыттан кэннилэрин хайыһан көрбүттэрэ, арай аҥардас саппыкы сырсан иһэрэ эбитэ үһү.
Биир билэр дьахтарым кэпсээбиттээҕэ, аймахтарыгар хоно сытан иһиттэҕинэ, арай таһыттан ыарахан атах тыаһа иһиллибит. Сотору буолаат дьиэҕэ киирбит. Хоноһо дьахтар барытын көрө сыппыт. Арай, саппыкы тыастаах баҕайытык хааман саалаҕа ааспыт уонна толкуйдуурдуу тохтоон турбут. Дьахтар маны барытын көрө сытан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыспыт. Ыксаан куттанан хараҕын быһа симэн кэбиспит. Арай саппыкы ыараханнык үктээн дьиэлээхтэр хосторун диэки хаампыт. Сотру буолан баран дьиэлээх ыаллар эбэлэрэ эмээхсин куһаҕан буолбут. Онон саппыкы сорох дьоҥҥо куһаҕаҥҥа көстөр эбит диэн сылыктаабытым.
Дөрүн-дөрүн дьон саппыкыны көрөллөрүн истэр этим. Баҕар, ол таҥара дьиэтэ уһуннук сыппытыттан буолуо дуу, кыракый нэһилиэкпитигэр дьон дьиктини көрөллөр эбит этэ. Оннооҕор киэһэ таансыга баран иһэр кыргыттар утары уол иһэр диэбиттэрэ, киһилэрэ курдат ааспыт сурахтааҕа. Айылҕаҕа дьэ, итинник ураты көстүүллэр бааллар.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
07.11.2022 22:30

Сайылыкка

Дьонум сопхуос үлэһиттэрэ буолан, оҕо сааһым үтүө күннэрэ бөһүөлэктэн икки аҥаар көстөөх сайылыкка ааспыттара.

Суол-иис мөлтөх буолан, сайылыктарга барыларыгар даҕаны тыраахтарынан эрэ сылдьыллар этэ. Нэдиэлэҕэ биирдэ эмэ эрэ бөһүөлэккэ баран кэлэҕин. Арай, биир үтүө күн биһиги сайылыкпытыттан аҕыйах килэмиэтирдээх ЛТО-ттан (оҕо үлэ-сынньалаҥ лааҕыра) биир уолу “муҥура ыалдьыбыт быһыылаах” диэн бөһүөлэккэ ыытаары аҕаллылар. Оччолорго мин уонча саастаахпын. Сайылык “былаастара” тута тыраахтар көрдөөн сүүрэн-көтөн баран, Көппө Бүөтүр диэн үүт таһааччы тырахтарыыһы буллулар. Атын тыраахтардар бары “алдьанан тураллар” диэн буолла. Ким ол түүннэри утуйбакка сүүрүөн баҕарыай… Өлүү түбэлтэлээх, ол Көппөбүт (тоҕо инньэ диэн ааттаммытым билбэппин, дьиҥинэн, сүрэҕэ суох киһи буолбатах этэ) итирик сылдьар эбит. Ону сирэр-талар, талымастыыр кыах суох. Ол саҕана, уопсайынан, дьону соруйан арыгыһыт оҥоро сатыыр курдук элбэх арыгы атыыланара. Испэт киһи диэн суоҕун да тэҥэ этэ.

Көппө түүннэри бөһүөлэккэ барар буолбутун сөбүлээбэккэ үөхсэ-үөхсэ, тыраахтарын эһэн түбүгүрдэ, пускааһын эһэн барылатта-бааҕынатта. Ол кэмҥэ мин туохха эрэ дэриэбинэҕэ барар наадалаах этим, ийэм суол көстүбүтүн туһанан малым-салым сыыһын хомуйа охсон биэрдэ. “Муҥура ыалдьыбыт буолуон сөп” 8-с кылаас уола Гуосаны кытта “ДТ-75” тыраахтар кэннигэр оҥоһуллубут адарай даллаҕа олорон айаннаан бардыбыт. Уолум улаханнык ыалдьыбат быһыылаах эрээри, ыалдьыбыт киһи киэбин ылынан, кууркатын хам эринэн баран быар куустан миигин сөбүлээбэтэхтии сургуччу көрөн олорор. Тугу да кэпсэппэккэ утарыта көрсөбүт.

Итирик кэриэтэ туруктаах киһи ыытан иһэр тыраахтара хайа аанньа буолуой… Бадарааннаах суол аппатыгар-дьаппатыгар киирэ-киирэ тахсыыларга, кутаны тумнан тыа быыһынан барылатыыга биһиги көтө-көтө түһэбит, кыл да түгэнэ тохтоон тыын ылар кыах суох. Тыраахтар кэннинээҕи тимиригэр хам баайан оҥоһуллубут “даар”, ол эбэтэр далла сыарҕа, биир кэм өрүтэ баһыалаан, туора садьыалаан олорор.

Икки чаастан тахса айаннаабыппыт, халлаан боруҥуйбутун кэннэ, аара сир ортотугар баар Хомустаах диэн былыргы өтөххө тиийэн кэллибит. Суолбут өтөх кытыытынан ааһар. Үрдүлэрэ сиҥнэн хаалбыт эргэ хотоннор-балаҕаннар быыстарыгар биир ампаардыы тутуулаах, түннүгэ-үөлэһэ бараммыт эргэ дьиэ таһыгар чугаһаан истибит. Өтөҕү бэрт болҕомтолоохтук кыҥаан иһэр киһи көрдөхпүнэ, эргэ ампаар хараара чөҥөрүйбүт түннүгүн иһигэр киһи далбаатыы турарга дылы. “Хайдах-хайдаҕый, хараҕым иирэр дуу?” дии санаан, харахпын сотто-сотто көрөбүн. Чахчы, ампаар түннүгүнэн иһирдьэттэн биир куп-кубаҕай сирэйдээх киһи өҥөйөн турар, тугу эрэ хаһыытаан айаҕа оҥоҥнуур, хараҕа килэбэчийэр, илиитинэн салгыны киэр сотуолуур. “Кэлимэҥ манна, киэр буолуҥ!” эҥин диир буолуон сөпкө дылы. Онуоха эбии, тыраахтарбыт суолуттан туораан өтөх үрдүк кырдалыгар, ампаар диэки өрө сүүрэн лаһыгырайан таҕыста. Сахсылла иһэн хараҕым кырыытынан били ампаартан өҥөҥнүүр сирэйи көрөөт, эмискэ этим сааһа аһыллан “дьар” гына түстэ (адьас, “кэлиэҥ да — өлүөҥ!” диир курдуга), утары олорор Гуосабар “куоттубу-уот!” диэн хаһыытаат адарайтан аллара ыстанан кэбистим. Сирэйим-хараҕым ынырыга, итэҕэтиитэ бэрдэ буолуо, сиргэ түһэн иһэн Гуосам кэннибиттэн ыстанан эрэрин көрөн хааллым…

Сиргэ түһээт били ампаартан эрэ ыраата түһэр баҕалаах суол диэки сүүрэн кыырайдым. Сотору Гуосам ситэ баттаан ылла. “Тоҕо куоттуҥ? Туох буолла?” – эҥин диэн ыйытыан да иннинэ, тыраахтар өрө бааҕыныырын кытта тыас-уус бөҕө өрө барчалана түстэ. Били Көппөбүт итирэн баран утуйан хаалбыт, салалтатын сүтэрбит тыраахтар өтөх ортотугар турбут былыргы телеграф остоолботун тирээбилин тоҕо анньыбыт, ону кытта төрдө эмэҕирэн турбут баараҕай остоолбо тыраахтарбытын үөһэттэн баалкылаан ньиргиппит. Тыраахтар хабыынатын барытын үөһэттэн хормуоска курдук ньахчаччы түһэн кэбиспит этэ.

Уолбун кытта чочумча саҥата суох тыраахтарбытын көрөн турдубут. Туох да саҥа-иҥэ суох. Тыраахтар, биллэн турар, умуллубут. Ол тухары иһиттэн Көппөбүт тахсыбата. Биһиги тугу да кэпсэппэтибит эрээри, хайабыт да испитигэр “өллөҕө” дии санаатахпыт буолуо. Аа-дьуо сыҕарыйан, бөһүөлэкпит диэки хаама турдубут… Тыраахтарбытын чугаһаан көрө да барбатыбыт.

Адьас түүн үөһэ дэриэбинэҕэ тиийэн, эдьиийим аах дьиэлэригэр кэлэн утуйан хаалбытым. Аара тыраахтарбыт баҕанаҕа баттаппытын, Көппө өлбүтүн эҥин туһунан, тоҕо эрэ, кимиэхэ да кэпсээбэт дууһа буолан биэрбитим… Гуоса хайаабытын билбэппин.

Ол остуоруйа барыта этэҥҥэ түмүктэммитэ. Көппө өлбөтөх эбит этэ, түүн үөһэ уһуктан тыраахтара маска хам сохсолотон сытарын билэн баран, туох да буолбатаҕын курдук, били мин куттаммыт ампаарым иһигэр киирэн салгыы утуйан хаалбыт. Сарсыныгар эрдэ туран, бөһүөлэккэ киирэн “тыраахтарым ырычааҕа төлө баран, салайарбын истибэккэ баҕананы кэтэн ыт гына сыста. Киһитэ мин буолан, көҥдөйдөтөн, арыычча тыыннаах хааллым. Хата, оҕолору эрдэ сэрэтэммин, ыстанан кэбиспиттэрэ. Суолларын ыйан биэрбитим” диэн кэпсээбит сураҕа иһиллибитэ.

Гуоса муҥура ыалдьыбатаҕа быһаарыллан, сотору төттөрү лааҕырыгар тиийбит этэ.

Оттон ол ампаар билиҥҥэ диэри турар буолуохтаах. Уонча сыллааҕыта ааһан иһэн этим тарда-тарда көрдөхпүнэ, били аҥайан турар түннүктэрин ким эрэ олус кыһамньылаахтык хаптаһынынан хам саайбыт. Оттон хараарбыт эркинин былаһын тухары кимнээх эрэ: “Посторонним вход воспрещен! Абааһылаах!!!” — диэн миэлинэн суруйан дьардьыгынаппыттар. Кырдьык, хараҥаҕа ааһан иһэр дьон хаста да түннүгүнэн киһи быгыахтыырын көрбүттэр эбит этэ. Хоммут дьону моһуоктуур эҥин үһү. Ол эрээри, тус бэйэм ити ампаар “хаһаайынын” чахчы абааһы диир кыаҕым суох. Гуоса биһиккигэ кини — үрүҥ тыыммытын өрүһүйбүт аанньал кэриэтэ.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
09.11.2022 02:59

БУЛГУННЬАХ АБААҺЫТА

Булгунньаҕы “кургаан” диир дьону кытта үлэлии сылдьыбыттаахпын. Бас баттах саҥалаах дьон этилэрэ. Ол да буоллар, ыарахан үлэҕэ сырыттахха, ити курдук дьон аралдьыталлара үчүгэй буолара. Син өйдөһөр этибит. Дьокуускай таһыгар богуон дьиэҕэ үлэһиттэри кытта олорор кэммит.

Ити 1958 -1959 сылларга. Онно өссө хомсомуолбун. Ийэбин кытта барар - кэлэр сирбит баранан, итиннэ олорбуппут . Уолаттар ийэ курдук оҥостор этилэрэ. Араас улуустан быстан - ойдон кэлэ сылдьар ычыах - бычыах дьон буоллахпыт. Дьиэбит түннүгүн утары улахан баҕайы булгунньах турара. Ой Бэс уонна Табаҕа икки ардыгар. Уот суох. Киэһэрдэ да, хараҥаран хаалара. Биһиги ол аайы борук - сорукка булгунньахпытын кыҥастаһар этибит. Биирдэ булгунньах оройугар уот оттубуттарын курдук , туох эрэ сырдаан көстүбүтэ. Ийэбэр эппиппэр " ол булгунньахха ким уот уоттаммыт үһүө, туох уота буолара биллэр…"- диэн эрэ кэбиспитэ. Билигин санаатахха, айыы уота буолбатаҕын билэр эбит. Арыт булгунньаҕы көрө турдахпына хаста да сулус сыыйыллан түһэрэ. Дьиэлэрбит чугас - чугас тураллара. Олортон биирдэстэригэр Кынньаҕар Өндөрүүскэ олороро. Биирдэ биһиэхэ киирэн олорон: " Ити кургаан! Онно кылаат баар буолуохтаах…"- дии - дии хараҕа уоттанан кэлэрин өйдөөн хаалбыппын. Хас да сыл оннук олорон үлэ бөҕөтүн үлэлээбиппит. Түөртүү кыбартыыралаах, иккилии этээстээх дьиэлэри тутуталаабыппыт. Сороҕор ыҥырыа уйатын курдук хостордоох дьиэлэри тутарбыт. Тарабукин диэн уол биирдэ сиэркилэлээх кэлбитэ. Тугу көрөн аралдьыйыахпыт баарай, харабыл оҕонньорго сарсыарда уһугуннардын диэн илдьэ сылдьар бөтүүгүн моһуоктаабыппыт. Сиэркилэбитин тутан биэрэн күлүгүн кытта охсуһуннарарбыт. Бөтүүк тэбэн баран тиэрэ баран тиэрэ таралыс гынар этэ. Ол аайы күлсүү бөҕө. Хаста да тэбэн көрөн баран, син тугу эрэ толкуйдуурдуу, сиэркилэ кэтэҕин өҥөйөн көрөрө. Аны туран ол бөтүүгүн оҕонньор уола кэлэн : " Мин бөтүүгүм таҥараһыт ээ " ,- дии- дии ылан таҥнары сытыаран кэбиспитэ. Бөтүүк таҥнары сытан эрэ хамнаабат буолан хаалара. Түөһүгэр икки харандаас чоочоонун ылан, кириэстии ууран кэбиспитэ. Хамсаабат буолан түспэтэхтэрэ. Өлүөр диэри сытыах курдуга. Хамныа диэн кэтэһэ сатаан баран, тарҕаһан хаалбыппыт. Кэлин билбиппит бөтүүк кириэһэ тайа - майа да суох бэйэтэ да сытар эбит этэ. Урут өссө бөтүүк хаһыытаата да, абааһы атаҕынан куотар диэччилэр. Биһиги ол биир өрөбүлгэ сынньаммыппыт диэн ити эрэ.
Наар сөтөллөн хахсайа сылдьар уол баара. Ол уолу кытары миигин суол буорун кутарга анаабыттара. Кынньаҕар баҕайы моһуоннаах омук дьоно кэлбиттэрэ. Хаана тартаҕа буолуо, олорго отой сөрүөстэ сылдьар буолан хаалбыта. Биһиэхэ быгара аҕыйаабыта.

“800 кыраам бурдугунан Өлүөнэни хааһылыыр дьон” диэн аанньаран этиэхтэрэ дуо. Тыала суохха мас хамсаабат. Оттон киһибит тыла барыта " кылаат, кылаат…" диэн буолан хаалбыта. Аны туран уолаттар булгунньаҕы үлтү бурҕайан барбыттара… Кынньаҕар куопсуктаах “бөлөрүүс” тыраахтарга олороро. Буору баһан ылан улахан массыынаҕа сүөкээн иһэрэ. Санааларыгар кылааттарын көрдөөн эрдэхтэрэ буолуо. Биирдэ Хообурҕай оҕонньор миэхэ " Ити дьахтары сирдээ эрэ …"

  • диэн баттаҕын быыһынан көрөн кылата сылдьар, илдьиркэй таҥастаах, орто саастаах дьахтары киллэрэн биэрбитэ. Ол муҥнааҕы киһи көрөөт аһыныах курдуга. Мин хап - сабар таҥнаат дьахтары өйөөн таһаардым. Иһин түгэҕэр тугу эрэ киҥинэйэ сылдьар этэ. Этэ тымныы баҕайынан үрэр курдуга. Таһырдьа тахсааппытын кытта дьахтарым булгунньах диэки илиитин өрө ууммутунан барда. Онно чугаһаан истэҕин аайы кыаҕыран, эрчимирэн иһэргэ дылы…

Булгунньах тэллэҕэр тиийиибитигэр, санаабар, хайдах эрэ кыччаан, аччаан хаалбыкка дылы санаммытым. Аны сыыры тахсыыга дьахтарым бэйэбин сиэтэн соһуспута. Мин куттанан, отой буорайа сыспытым. Хайдах эрэ этим сааһа аһыллан хаалбыта. Хаар икки, тыал тыаһа икки биир кэм улуйан олороро. Булгунньах оройугар тиийэн иһэн халтарыйан охтооппун кытта дьахтарым отой да сүтэн хаалбыта… Онно эрэ өлөрдүү куттаммыппын билбитим. Тобуктарым отой уйбат буола титирэстээн хаалбыттара. Дьиэбэр эппэт кэлэҕэй буола куттанан киирбитим.

Тыал тыаһа киһи күлэрин, ытыырын курдук иһиллэр буолан хаалбыта. Оҕонньорго эмиэ дьахтар буолан көстүбүт этэ. Мин оччолорго саҥа ойохтонон сылдьар кэмим. Туох буоламмын ойохпун таҥнарыамый.
Таптаспатаҕым.

Уолаттар ол кыһыны быһа булгунньаҕы сүргэйэн тахсыбыттара. Эһиилигэр тиийэн, үлтү эмэн бүтэрбиттэрэ…Улахан булгунньахтан тугун да хаалларбатахтара…
Ол устатын тухары булгунньах оройугар тахсан баран харахпыттан сүппүт дьахтар төбөбүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Санаам - оноом барыта айылҕабыт барахсаны алдьатыһа сылдьарбыттан хараастар буолбута. Ол иһин дойдубуттан, аал уоппуттан наар көрдөһөр - ааттаһар буолбутум.
Биирдэ суоппар уолаттар сирэйдэрэ - харахтара туран аҕай киирбиттэрэ. Туохтан оннук буолан киирбиттэрин хантан сэрэйиэм баарай. Олору кытта били дьахтар киирсэн, мин диэки сургуччу көрөн турара. Сарсыныгар эрдэ туран оһох отто олорбутум. Арай таһынааҕы дьиэҕэ дьахтар айманара иһиллибитэ. Аны ол - бу буолан хаалыахтарадиэн тахсан көрөөччү буолбутум. Аргыый түннүккэ үөмэн тиийэн өҥөйөн көрбүтүм, били дьахтары кытта Кынньаҕар обургу хоонньоһон сыталлара…
Онтон халлаан аргыый сырдаабыта. Эбиэккэ диэри суоппардар биллибэтэхтэрэ. Эбэбит туран эрэр кэмэ этэ. Тыал да тыал. Күнү быһа кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбытым. Сарсыныгар халлан сырдыан эрэ иннигэр борук - сорукка урукку булгунньах оннугар били дьахтарым уот оттон баран, аттыгар сахсараҥныы сылдьарын көрөн этим тарпыта. Сир иһигэр дүҥүр тыаһа иһиллэрэ. Мин өссө куттаммытым. Уоппар ас кээһэрим элбээбитэ. Сарсыарда эрдэ ийэм уһугуннарбыта. Сирэйэ - хараҕа өһөн хаалбыт этэ. Хоско сүүстэрин аннынан көрбүт дьон бааллара. Кынньаҕартан били суоппардар ыйыталаһа олороллоро.

Кынньаҕар бастаан тугу да билбэтэх аанньал курдук ону - маны эрдэ олорбута. Урут туттан - хаптан сылдьарыттан чыҥха атын көрүҥнэммит этэ. Онтон бэркэ ыкпыттарыгар дьэ айаҕа аһыллыбыта. Кынньаҕарга " эн өлүүҥ " диэн көмүс биэрбиттэр… Суостаах - суодаллаах дьоҥҥо хаатыҥкатын иһиттэн : " Бу баар мин өлүүм, көмүһүм",- диэн, титирэстии - титирэстии өрбөххө сууламмыты таһааран туттарбыта. Көрдөхпүнэ өрүс тааһыттан туох да уратыта суох этэ. Ону көрөн " оҕонньор хамнаабыт…" - дэспиттэрэ. Салгыы " булбут көмүспүтүн түүн кистээн тиэнэн барбыттара, миэхэ өссө биэриэхтээх этилэрэ",- диэн саҥалаах буолан биэрбитэ.

Аны мин ыйытыллар уочаратым кэлбитэ. Онуоха Кынньаҕар : Итилэр билбэттэр. Мин эрэ билэбин. Утуйа сыппыттара",- диэн миигин быыһаан ылбыта. Оҕонньору илдьэ барбыттара.
Төннүбэтэҕэ…

Суоппардар сүппүттэрэ хас да хоммутун кэнниттэн " массыыналар эбэҕэ түспүттэр, суоппардар ууттан тахсан баран, Дьокуускай диэки сырсыбыттар. Сыыр анныгар арыый тиийбэккэ үһүөн үлүйэн өлө сыталларын булбуттар " диэн сурах кэлбитэ. Үс массыынаттан биирин эрэ булбуттара. Өрүс тааһын тиэйэн иһэн тимирбит диэн быһаарбыттара. Уолаттар " көмүһү, кылааты буллубут “,- дии санаатахтара буолуо. Ол иһин ол түүн кэлэн тиэнэллэр.
Айылҕа сэрэтэр, атаҕастаттаҕына иэстэһэр…

Маяк Абрамов.

УГААЙЫЛААХ ТҮҮН

Көстөкүүн уол 13 саастаах оҕо даа буоллар, кинини куруук Көстөкүүн диэн ыҥыраллар. Атын киһи иһиттэҕинэ сиппит киһи буолуо дии саныыра, онтулара баара сүрдээх сытыы сирэйдээх-харахтаах, барытын билиэн-көрүөн баҕалаах уол оҕото. Ханна даа буоларын курдук оҕо билиэн баҕата баһыйааччы. Оччоҕо улахан дьон толкуйдара тиийбэтин оҥоро көтөллөрө баар суол.

Көстөкүүн бүгүн былаан бөҕө. Эһэтин кэпсээнин истэн, бу түүн 12 чааска ойбоҥҥо киирэн олорорго сананна. Санаатыгар бу саамай чэпчэки курдук. Атын таҥха оонньууларынааҕар, сэргэни кууһуохтааҕар, хоруопка сытыаран баран суоруна тааһы эргитэллэр үһү, уой, этим тарта! Уонна кыыл-сүөл саҥатын истэ олоруохтааҕар. Саха оонньуулара сүллүкүүн таҕыстаҕына саҕаланаллар, саастаах өттө остуол тула олорон биитэр табахтыы олорон оонньуур. Сахаҕа биир арыый кэпсэнэр, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит, таҥха таҥхалаан, түөрэх түһэрэн билгэлэнии туһунан кэпсэтии сэрэбиэйдэнии буолара. Бу эдэр дьону наһаа дьиктитик тардара. Үтүктүөхтэрин баҕараллара. Көстөкүүннээхтэн ойбон даҕаны ырааҕа суох, дьиэтин анныгар баар. Көстөкүүн кимиэхэ даҕаны эппэккэ, ийэлээх аҕата утуйа сыттахтарына орҕостон туран, эһэтин бараан соно көкөҕө ыйанан турарын сыһан-соһон, аанын аһан таһаарда. Эбэ үрдүнээҕи сүөһү уулуур сүллүгэс аанын түһэрэн, сонун соһон ынчыктаһан сыыры таҥнары түстэ. Халлааҥҥа ый туолан, “куттаммакка киир” диэбиттии мэлтэйэн турара. Хайдах эрэ туох барыта улаатан, тииттэр күлүктэнэн тураллара. Муус, мас тыаһа тыһыргыырга дылы буолла. Уол сүрэҕэ айаҕынан букатын уһулу ойон тахсыах айылаах мөҕүстэ. Дьэ, сүөһү тэпсэн чиҥэппит ойбонун кытыытыгар тиийэн, атаҕын ойбон модьоҕотугар ууран, саҕынньаҕын бүрүнэн чохчойон олорон кэбистэ. Туох даа иһиллибэт чуумпута. Кэтэһэн кэнтэллэн олордоҕуна арай туох эрэ хоочургуур тыаһа чугаһаан кэллэ. санаатыгар эбитэ дуу, сонун тардыалаары гыммыттыы сытырҕалыыр тыас иһилиннэ. Тиис тыаһа хабырынарга дылы. Көстөкүүн туох баар тулуурун киллэрэн, бөгдьөллөн олордо. Соммун былдьыа, оччоҕо муостаах сүллүкүүнү утары көрүөм диэн сонун болточчу бобо тутан аҕай олордо. Онтон туох эрэ чуккуратан ааста дуу, баар дуу. “Оо, ол иһин даҕаны ойбонтон тахсыбыт тыас чаккыраата”. Эмискэ көхсүн этитэн сүллүкүүн чугаһаата, туох эрэ кэлэн оройго саайда. Соһуччута бэрдиттэн Көстөкүүн “Айаа!” диэбитинэн “бурал” гына түстэ даҕаны, дьиэтин диэки түһүнэн кэбистэ. “һуу, сиппэтэр ханнык, оҕустаҕа күүһүн” дии санаата. Дьиҥэ тулуйуохтааҕа ээ. “Ити баар дии, мөлтөх киһибин, истибэтим” диэн бэйэтин буруйданан киирэн, тыаһа суох токуруйан сытынан кэбистэ. Куттанна, аны сүллүкүүн кэтэһэн туруо диэн. Сарсыарда ким эрэ күлэр саҥатыттан уһуктан кэллэ. Дьоно аһыы олороллор, кини туран кэлбитигэр уоран көрө-көрө, мичээрдии-мичээрдии кэпсэтэ олордулар. Арай эһэтэ оҕонньор Баһылай ойбон аллара киирбитэ барааҥка сон сытар үһү. Бэрт сэнэх сон. “Соһуйдум, сүллүкүүн кэтэн тахсыбыт сонун хаалларбыт диэн”. “Аны үөһэ тахсан тоҥон өлөрө буолуо дуу” дэһэн толкуйдаабыттыы тутуннулар. Ол кэннэ ол түгэни умнан кэбиспит курдук тутуннулар. Күө-дьаа күннээҕи түбүгү ырытыстылар. Оннук олордохторуна ыаллара Уйбаан киирэн: “Бөөлүүн сүөкэнэ тахса сылдьан ойбону көрбүтүм туох эрэ муостаах, кутуруктаах эһиги диэки сүүрэн эрэрэ ээ, сүллүкүүн сүүрдэ быһыылаах диэммин түргэн соҕустук киирэн ааммын хатана охсон кэбистим. Иэдээн, ханна дьукаах олоро таҕыста буолла, кэтээн көрөөрүҥ”, - диэтэ. Өмүрэх Балаайа өмүрэн ходьох гына түстэ, “кэбиис-кэбис” дии-дии таҥараланан уҥа-хаҥас сапсына охсубута көрөргө киһи күлүөх курдук буолла. “Бу да эмээхсин, бүт эрэ, оҕолору соһутан” диэн буойулунна. Ити курдк сарсыардааҥҥы аһылык ол кэпсээнинэн түмүктэннэ.
Арай Көстөкүүн уол саҥата суох сырытта. Ама кырдьык сүллүкүүн буолуо дуо диэн толкуйга түстэр түһэн истэ. “Бээ, кырдьык табаарыспар кэпсиэм. Дьэ уһуннук даа уһуннук кэтэстим. Тахсыбыт тыаһын иһиттим, ол олордохпуна кэлэн оройго тоҥсуйда. “Быйыл тугу баҕараҕын, онтукаҥ туолуо, табаарыһыҥ кэлбэтин, ыстааныгар хаар симиэм” диэтэ быһыылаах. Көстөкүүн ити былааныттан бэйэтэ астынна. Кини баҕата биллэр - ымсыырар бэлэсипиэдэ. Онтон табаарыһа куттанан өлүөн сөп диэн харыстаата.

Уонна таһырдьа мас көтөҕө тахса сылдьан эһээтин бараан соно турарын көрөн эмиэ даҕаны ,,һуу, хата сүппэтэх’’ диэт мичээрдээтэ. Ол гынан баран кырдьык сүллүкүүн охсубута, ол аата кырдьык кэпсииллэр эбит диэн бүтэһиктээх толкуйунан бигэргэттэ. Аны хаһан даҕаны ойбоҥҥо киириэ суох буолла. Хантан билиэй, ааһан иһэр ыт ииктээн ааспытын уонна ыала оҕонньор Уйбаан дьээбэлээҕинэн аатырар, сэрэйэн киирэн кыра тайах маһынан кэтэххэ охсубутун. Уура сылдьан ол сыллаахха диэн кэпсэтиигэ биир көр эбилиннэҕэ ити, ыаллыыларга. Эн ойбоҥҥо киирэҕин дуу?…

Дьохсоҕон Кыыһа.
09.01.2020 с.

“Иччилээх мас” баарын билэҕит дуо?

Саха тыла баай. Ол эрээри, аныгы үйэ ыган, саха тыла күн-түүн өлөр-тиллэр хапсыһыыга сылдьар курдук. Урукку өбүгэлэрбит хас эмэ үйэлэр тухары туттубут тыллара умнуллар, оттон сахалыы саҥа тыллар толкуйдамматтар, айыллыбаттар.

Холобур, билигин ардьаах, сутуруо, оһох хорото, чабычах, симиир, моойторук, саары, этэрбэс, балтарык диэн курдук тыллары туттуоххун баҕарбытыҥ да иһин, ол маллар бэйэлиин мэлийбиттэр. Ол оннугар аныгы сайдыы тыллара: көмпүүтэргэ, электроникаҕа, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах хас эмэ тыһыынчанан саҥа тыл тоҕо тибэн киирэ турар. Ону барытын саха тыла кыайан буһарар, илдьиритэр кыаҕа да суох балаһыанньаланна. Дьон ол саҥа тыл төрдүн-төбөтүн ырыҥалыы барбакка, хайдах баарынан ылан туһанан барар.

Син ол тэҥэ, саха духуобунай өйдө­бүллэрэ эмиэ умнулла быһыытыйда. Өбүгэлэрбит этэллэринэн, “оннооҕор от атах уол иччилээх” диэн. Ол эбэтэр, бу орто дойдуга айыллан оҥоһуллубут мал-сал, үүнээйи, киһи-сүөһү барыта иччилээх. Холобур, былыргы сахалар сыһыыга, хонууга ойдом турар, уопсайынан “ханна баҕарар” да диэххэ сөп, уратытык үүммүт, аһара улахан, туох эрэ бэлиэлээх, киһи хараҕар быраҕыллымтыа маһы ытыктыы, сүгүрүйэ көрөллөрө. Бу маска хайаан да дойду (аартык, тоҕой, сыһыы) иччитэ хорҕойон, саһан олорорун курдук саныыллара. Маннык маһы, биллэн турар, аньыырҕаан тыыппаттара, аттыгар кэлэн айдаарбаттара. Эгэ кэлэн, кэрдиэхтэрэ дуо! Оннук ураты мастары былыр ойууннар кэрэххэ туһаналлара (кэрэх мас диэн, судургутук, ханнык эрэ ыарыыттан-сүтүүттэн толук туттаары өлөрбүт ынахтарын-сылгыларын тириитин ыйаабыт мастарын аата. Ол маска ыйаммыт “куочай” диэн уһуктаах мас ол “бэлэх” хайа дойду абааһыларыгар анаммытын чопчу ыйан турар), сорохтор бу маска хайаан да үтүө иччилэр олороллоругар бүк эрэллээх, бэлэх-туһах ыйаан Ытык мас оҥостоллоро, сүгүрүйэллэрэ.

Дьокуускай куорат Лермонтов уулуссатын бүтэр уһугар, “Гимеин” диэн дьикти ааттаах тохтобул таһыгар, Ийэ скверэ баар. Улахан пааматынньыктаах. Баҕар, ким эрэ өйдөөн көрбүтэ буолуо, ол сквер утары, уулусса кытыытыгар хатан хаалбыт соҕотох бэс турар.

Өссө 2011 сыллаахха, уулуссаны саҥардан оҥоро сылдьар дьон бу маска кэтиллэ түспүттэр. Суол оҥоһуутун бүөлээн турар маһы, биллэн турар, кэрдэн ылан быраҕан кэбиһээри гыммыттар. Ол эрээри, туох эрэ имнэнэн, тохтообуттар. Дьиҥинэн, суолу оҥорооччулар диэн оннооҕор буолуоҕу суулларбыт-сууһарбыт, алдьаппыт да, оҥорбут да бойобуой дьон буоллахтара. Сэрэйдэххэ, атын омук дьоно эҥин буолуохтарын сөп. Быһата, бэйэлэрэ кэрдэн кэбиһиэхтэрин илиилэрэ барбатах. Ол иһин саха абааһытын эҥин туһунан туох да өйдөбүлэ суох туора омук дьонун наймыылаһан кэртэрэ сатаабыттар да – анарааҥҥылара эмиэ куттаммыттар. Кырдьыга да, “туох эрэ куһаҕаннаах буолан бэйэлэрэ кэрдибэккэ, биһиэхэ кэртэрэ сатыыллар” диэн уорбалыы санаатахтара. Ол курдук, хас да атын бөлөх дьон харчы да манньаҕа кэрдэртэн кыккыраччы батынан кэбиспиттэр. Ким да туһааннаах кэмин иннинэ өлүөн-сүтүөн, ыарыһах буолуон уо.д.а. баҕарбатах.

Суолу оҥорооч­чуларга, эбиитин, ким эрэ “былыр манна саха төрдө буолбут Эллэй, Омоҕой эҥин олорбут буолуохтаахтар. Кинилэр Сайсары күөл соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр олорбуттара дииллэрэ” диэн сырдаппыт.

Инньэ гынан, мас туран хаалбыт. Суол кинини тумнан, арыылаан ааспыт.

Дьокуускай куорат олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Е. Слепцова санаатын бу курдук этэр:

– Былыр манна син элбэх бэс үүнэн турбута. Бу бэс кинилэртэн олох ойдом, кытыыга турара. Олохтоохтор маска кэлэн сороҕор салама ыйыыллара. Онтон сэбиэскэй былаас саҕана, араас өҥнөөх саламаны ыйыыр туһунан дьон умнубута. Ол эрээри, бу маска дьон син биир уратытык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Холобур, мин бэйэм бу кырдьаҕас маска чугаһыахпын куттанабын, оҕолорбор, сиэннэрбэр даҕаны инньэ диэн сүбэлиибин.


Уопсайынан ыллахха, Дьокуускай кырдьаҕас да олохтоохторо чуолаан бу мас туһунан ханнык да былыргы номоҕу, ураты сэһэни билбэттэр. Бу маска ким да туох эрэ дьикти бэлиэни көрбүтэ дуу, бу мас кимиэхэ эрэ үчүгэйи-куһаҕаны оҥорбута дуу диэни киһи истибэт. Хаппыт мас турар да турар. Аныгы сахалар “ити мас турдаҕына турар буоллаҕа, суулуннаҕына да сир-халлаан сиҥнэн түһ

эрэ биллибэт” диэн бөлөһүөктүү саныыр буолуохтаахтар.

Ол эрээри, кэлин бу маһы суолу оҥорооччулар тумнан ааспыттарын, кэлин, эбиитин күрүөлээбиттэрин кэннэ дьэ дьон болҕомтото хатаммыт буолуон сөп. Онуоха эбии бу эргин кимнээх эрэ маһы “абааһылаах үһү”, “ити маска чугаһаатыҥ да ыалдьар үһүгүн”, “оннооҕор суолу оҥорооччулар куттанан тумнан ааспыттара” эҥин диэн сүрдээх-кэптээх сурахтары тарҕаппыттара.

Онон, быһата, суолу оҥорооччулар тумнубуттарын эрэ кэннэ бу мас “урукку боростуой олоҕо” уларыйан, мааныга-далбарга, ытыктабылга, сүгүрүйүүгэ тиксибит курдук. Бу мас, өскөтүн этэллэрин курдук абааһылаах да эбит буоллаҕына, ону ханнык да учуонай анаан үөрэтэ, бигэргэтэ илик.

Быйыл бэс ыйын 5 күнүгэр Сайсары күөл үрдүгэр турар маска “Харысхал бэлиэтэ” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Бу тэрээһини “Русский Север” диэн пуонда бэрэсидьиэнэ Юрий Григорьев тэрийбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, “Русский Север” диэн нуучча дьонун түмэр уопсастыба. Атыннык эттэххэ, биһиги, сахалар, маспытын, “саха омугун духуобунаһыгар суолталаах” диэн нуучча дьоно көмүскэһэ сылдьаллар. Кинилэр бу ураты маска болҕомтону туһаайар наадатын, кырдьаҕас мас норуот устуоруйатыгар улахан оруоллааҕын туһунан этэллэр уонна анал ааты иҥэриини туруорсаллар. Юрий Григорьев, “бу маска “мас пааматынньык” аата иҥэриллэрин биһиги салгыы туруорсуохпут” диир.

Бу маһы көмүскэһиигэ иилээччи-саҕалааччы быһыытынан сылдьар Андрей И., Арассыыйаҕа барытыгар биллэр чинчийээччи, санаатын бу курдук кэпсиир:

– Бу устуоруйаҕа суолталаах мас туһунан хас биирдии киһи билиэхтээҕин учуоттаан туран, биһиги түмсүүбүт, хаһыат, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа үлэһиттэригэр мунньан, субуотунньук тэрийбиппит. Маннык улахан суолталаах мас баарын туһунан олохтоохтор билбэттэр. Дьиҥэр, хас биирдии киһи бэйэтин олорор дойдутун устуоруйатын эндэппэккэ билиэхтээх этэ буоллаҕа. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу тэрээһиммитигэр олус аҕыйах киһи кытынна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр араас омук дьоно бөҕө кэлэн бараллар. Саҥа куоракка кэлбит киһи, үгэс курдук, “бу куораккытыгар туох ураты, бэлиэ сирдээххитий?” диэн ыйытар. Онно мин түмэллэри, пааматынньыктары көрдөрөн баран, кырдьаҕас ойуун маһа баарын туһунан эттэхпинэ, киһи барыта өрө көрө, сонургуу түһэр. “Айабыын, оннук баар эбит дуу!” – диэн буолар.

Бу маһы судургутук “ити туох да иччитэ суох мас” диэн баран сапсыйан кэбиһэр чэпчэки. Бу мас баар, турар уонна салгыы да туруоҕа. Кырдьык, ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыттарга олохтоох норуот устуоруйата, бэлиэ миэстэлэрэ болҕомтону тардар бөҕө буоллахтара. Өссө бу маһы туох да сиэрэ-туома суох кэрдэн ылаары гыммыттара. Оннук табыллыбат буоллаҕа дии?! Норуот устуоруйата симэлийэн сүтүө суохтаах, ол туһугар нуучча-саха диэн арахсыбакка бары бииргэ үлэлэһиэхтээхпит.

Бу мас пааматынньыгы көмүскүү сылдьар дьону кытта кэпсэтэн баран, саха итэҕэлигэр сыһыаннаах, куорат устуоруйатын үчүгэйдик билэр дьоҥҥо төлөпүөннээн кэпсэтэ сатаатым. Ону баара, биир да киһи болҕомтотун уурбата. “Ханнык маһы этэҕиний? Оннук мас баар дуо?” – диэн төттөрү бэйэбиттэн ыйыталаһаллар. Сорохтор “ээ, ол маһы этэҕин дуо?” диэн аахайбатахтыы этэн баран бу кэпсэтиибитигэр интэриэстэрэ тута уостар. Быһата, билбэт мастара эбит.

Дьэ, Дьокуускай куорат кытыытыгар турар биир Ытык Мас туһунан устуоруйабыт итинэн бүтэр. Кырдьык, бу мас урукку өттүгэр атын кэккэлэһэ мастартан туох да ураты айдарыыта, аба-хомуһуна суох да эбит буоллаҕына… Билигин кини – дьиҥнээх Ытык Мас. Ону кини аттыгар силигилээн турбут хара тыа барыта кэрдиллибитин кэннэ собус-соҕотоҕун ордон хаалбытынан, суолу оҥорооччулар сүгэлэриттэн-эрбиилэриттэн бэйэтин ис кыаҕынан, Үрдүкү Айыылар көмөлөрүнэн төлө көппүтүнэн, оннооҕор буолуоҕу солообут суол тиэхиньикэтэ барыта кинини тумнан, суолу өҕүлүннэрэн туран арыылаабытынан, эбиитин, кинини бэлиэтии көрөн ханнык эрэ үтүө дьон күрүөлээбиттэринэн, пааматынньык оҥорбуттарынан. Маннык чиэскэ мас эрэ барыта тиксибэт.

Улуу, иччилээх мастары эрэ маннык ураты дьылҕа күүтэр.

Онон, сылдьыҥ, сүгүрүйүҥ, ытык­тааҥ!

Екатерина АФАНАСЬЕВА.

суумката тутуурдаах эдэр кыыс киирэн кэллэ. Кэпсэтэн билсибитим, били, омук тылын үөрэтэр учуутал кыыс буолла. Массыына көстүбүччэ, эрдэ кэлэн хаалбыт. Инньэ гынан доҕордоммут киһи быһыытынан сэргэхсийэн, күө-дьаа буолан, чэй оргутан, ас тардан, билсэн-көрсөн бардыбыт.

Ити түүн кэнниттэн ол сэрбэллибит кыыһы да, кини чаҕаан күлүүтүн да букатын истибэтэҕим. Ол туһунан, баҕар, куттаныа диэн, кыыспар эмиэ кэпсээбэтэҕим. Арай үчүгэйдик бодоруһан, эн-мин дэһэн билсибиппит кэннэ, Саҥа дьыл бырааһынньыгын чугаһыгар биир киэһэ кыыһым “бу дьиэҕэ кэлэн баран туох да дьиктини көрбөтөҕүҥ-истибэтэҕиҥ дуо?” диэн ыйытан соһуппута. Мин онтон хайдах эрэ этим тардыбыта, “дьүөгэм билигин даҕаны көрөр буоллаҕа дуу?” диэн куттана санаабытым. Хата, Ася “мин эмиэ кэлээт даҕаны кыра сэрбэллибит кыыһы көрбүтүм. Күлэр этэ. Туох да куттала суох. Ити – бу дьиэ иччитэ. Саҥа кэлбит дьону кытта кэлэн, дорооболоһон барар үһү. Ол туһунан ыалбыт дьахтар кэпсээбитэ, “куттанымаҥ, аны биллиэ суоҕа” диэбитэ” диэн уоскуппута. Кырдьык, оннук да буолбута. Мин ол дэриэбинэҕэ үс сыл үлэлээн, эргэ тахсан атын сиргэ көһүөхпэр диэри кырачаан кыыс хаһан даҕаны биллибэтэҕэ.

НЬУРГУЙААНА,

«Иччилээх балаҕан» батсаап бөлөҕүттэн

Уонтан тахса сыллаҕыта Уус Алдан биир дэриэбинэтигэр учуутал үлэтэ көстүбүтүгэр, түптээн үлэ булбакка сылдьар киһи, тута сөбүлэһэн, аҕыйах суумка маллаахпын туппутунан, таксига олорон, үөрэх саҕаланыа уонча хонук иннинэ көһөн барбытым.

Дэриэбинэҕэ тиийэн эппит аадырыстарыгар түһээппин кытары, оскуола дириэктэрэ кэтэһэн туран, сүрдээх эйэҕэстик үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Тута малбын-салбын, суумкаларбын көтөхсөн, түөрт кыбартыыралаах дьиэ биир хоһугар киллэрэн, олохтоон кэбиспитэ, күлүүспүн туттарбыта уонна саҥа кэлбит киһи туох астаах буолуохпунуй, “билигин миэхэ баран чэйдиэх, баҕарар буоллаххына, хонуоххун да сөп. Дьиэҕин-уоккун сарсын кэлэн хомунуоҥ буоллаҕа. Кэргэним кэтэһэн олорор буолуохтаах” диэн, дьиэтигэр ыҥырбыта. Мин истиҥ сыһыантан үөрэн, сөбүлэһэн, баран чэйдээбитим эрээри, “малбын-салбын бэринэ туруом” диэн, баһыыбалаан туран, хонортон аккаастанан уопсайбар кэлбитим.

Уопсайбыт түөрт кыбартыыралаах эбит этэ. Онтон иккитигэр эмиэ бэйэм курдук атын улуустан үлэлии кэлбит оскуола физруга кэргэниниин уонна дьаһалта буҕаалтыра аах олороллоро. Үсүһүгэр кулууп худруга уончалаах кыыһыныын баара. Оттон мин онуоха-маныаха диэри соҕотох буолбутум. Дириэктэрим “өйүүн былырыыҥҥыттан кэлэн үлэлии сылдьар омук тылын учуутала кэлиэ” диэбитэ.

Дьиэ иһин киирэн дьэ өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, биир утуйар хостоох, саалалаах, куукуналаах эбит. Хоско – матараастаах-сыттыктаах икки орон, саалаҕа дьыбаан турар. Эргэ да буоллар, тэлэбиисэр баара, хата, үлэлиир эбит. Куукуна саҥатык соҕус ыскааптаах, аһыыр остуоллаах, олоппостордоох, ас астанар билиитэлээх. Онон дьиэ кураанах буолбатах, киһи бастаан утаа син додо курдук олорууһу диэн, испэр үөрэ санаатым уонна тэлэбиисэрбин холбоон баран хоско малбын чөкөтө, сааһылыы киирдим.

Арай ол курдук оронум үрдүгэр таҥаспын-саппын бэрийэ олордохпуна, дьиэ иһигэр ханна эрэ оҕо күлэн чачыгыратта. Бастаан утаа онно отой кыһаллыбатым. Өссө испэр “наһаа да үчүгэйдик күлэр оҕо баар эбит, хайа ыаллар оҕолоро буоллаҕай?” дии санаан ыллым. Онтон тохтуу түһэн баран, иккистээн адьас субу аан кэннигэр, саалаҕа күлбүтүгэр хайдах эрэ “хайалара киирдэҕэй?” диэн, ытырыктата саныы-саныы тахсан көрбүтүм, ким да суох буолан биэрдэ. Ол турдахпына, түннүгүнэн кыҺыл бэргэһэ элэс гынан ааспытыгар, тиийэн өҥөс гыммытым, уол уонна кыыс оҕо таһырдьа оонньуу сылдьаллар эбит. Онон оҕолор эбит диэн уоскуйан, салгыы малбын бэрийэ киирдим.

Саҥа дьиэҕэ кэлэн, эбиитин былыргы куруһуна ороҥҥо табыллыбакка, түүн хойукка диэри аанньа утуйбакка, ону-маны эргитэ саныы сыттым. Онтон икки дуу, үс дуу чаас саҕана саҥа нухарыйан истэхпинэ, хоһум таҥас быыһын сэгэтэн, сэрбэллибит баттахтаах, чоҕулуччу көрбүт харахтаах, ытыахча курдук уоһун мэрбэппит, араҕас өҥнөөх тайтайбыт кылгас былаачыйалаах, атах сыгынньах түөртээх-биэстээх кыыс оҕо аргыый үктэнэн киирэн кэллэ уонна аан таһынааҕы эркиҥҥэ көхсүнэн сыстан, мин диэки тонолуппакка көрөн турда, уоһун иһигэр ботугураата. Санаабар, тугу эрэ этиэхчэ эппэт, ыйытыахча ыйыппат. Ону көрө сытан мин халтаһаларым ыараан, хараҕым сабыллан устунан утуйан бардым.

Эмискэ хоһум иһиттэн сүүрэн тахсыбыт кыракый атах тыаһыттан уонна оҕо күлэн чачыгыратар саҥатыттан уһукта биэрдим. Иэним кэдэҥнээтэ, этим сааһа аһылынна – олоро биэрдим. Ыксалынан тиийэн уоппун арыйа баттаатым, саалаҕа сүүрэн таҕыстым, куукунаны, көрүдүөрү көрдүм – ким да суох. Туох эрэ иччилээх, абааһылаах дьиэҕэ кэлбиппин бүтэйдии сэрэйдим. Суох, итини түүһээбэтим, чахчы, илэ көрдүм. Бэҕэһээ киэһэ эмиэ кини этэ. “Бостуой дириэктэр дьиэтигэр хоно хаалбакка, тоҕо даҕаны эмиэ бу дэриэбинэҕэ тылланан учууталлыы кэлбитим буолла?!” диэн, куттаммыт санаабар, кэмсинии-кэмиринии үүйэ-хаайа тутан барда.

Ол гынан баран, төһө да куттаннарбын, быстыам дуу, ойдуом дуу, саатар, билэр ыалым суох, онон туох баар уоппун-күөспүн барытын холбоон, хоспор киирэн суорҕаммар сууланыахпынан-сууланан баран, оронум үрдүгэр тобукпун кууһан баран олордум.

Түүн төһөҕө утуйбутум буолла, ким эрэ ааммын тоҥсуйар тыаһыттан уһукта биэрбитим, күн лаппа ыраатан эрэр эбит. Сып курдук таҥнан баран, сүүрэн тиийэн ааммын арыйа баттаабытым, илиитигэр эмиэ бэйэм курдук икки кытай

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
09.11.2022 20:33

Ойбоҥҥо оҕо ытыыр ынчыга…

Кыһыҥҥы туманнаах биир күн Өндөрөй хара сарсыардаттан хаһааҥҥытааҕар да эрдэ туран, тэп курдук тэринэн, ох курдук оҥостон, аһыыр аһын сүгэһэригэр хаалаан, халыҥнык таҥнан, балыктыы диэн барбыт. Аам-даам тымныылаах кыһыммыт хайыы-үйэ кэлэн, ойуур иһэ үп-үрүҥ түү көбүөрүнэн бүрүллүбүтүн көрөн ымманыйа, ис-иһиттэн долгуйа, сонун саҕатыттан уонна бэргэһэтин кулгаахтарыттан кырыатын тэбэнэ-тэбэнэ, тиийиэхтээх сиригэр ыксаллаах соҕустук хааман испит. Өндөрөй ол сиринэн сылдьыбатаҕа, быһа холоон, уонча сыл буолбут. Ол гынан баран, кини ити эргин суолу-ииһи эндэппэккэ билэр киһи эбит.
Ол өрүс кытыла былыр-былыргыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ сэттээх сиринэн киэҥник биллэрэ эбитэ үһү. Ол да гыннар, дьыл хайа баҕарар кэмигэр айылҕата олус кэрэтинэн, уута ырааһынан, сирин аһынан, булдунан, балыгынан дьону ыҥыра-угуйа турара… Аҕыйах сыллаахха диэри манна оҕо аймах мустан, оонньууну-көрү тардан, кыһыннары чуҥкуйан турбут айылҕаны аймаан ааһара. Ол кэннэ дэриэбинэ ытык кырдьаҕастара ыалдьан моһуогуран, биттээх түүллэри түһээн, күүскэ туруорсан дьон-сэргэ сырыытын бопсубуттара.
Алта уонус сылларга манна уонча саастаах икки кыра оҕо сөтүөлүү сылдьан, өрүс күүстээх сүүрүгэр оҕустаран тимирбиттэр диэн сурах тарҕана сылдьыбыттааҕа үһү. Ол да кэннэ төһөлөөх балыксыт балыктаан, хас булчут бултаан ааспыта ахсаана биллибэт буоллаҕа… Сорохтор абааһы аймыыр, дьээбэлиир диэн куттанан, аньыырҕаан ол сиргэ үктэммэт буолбуттара ырааппыт. Оттон сорох олохтоох дьон онно улаханнык болҕомтолорун уурбакка, кэлэн Байанай тугу бэрсэринэн бултаан-алтаан, балыктаан бараллара үһү.
Өндөрөй кытыл устун иккитэ-үстэ массыына ааспыт суолун батыһа хааман, балыктыыр сиригэр кэлэн тохтообут. Кутаа уот оттон, сирин-уотун аһатаат, анньыынан ойбонун алларан барбыт. Өрүс мууһа халыҥа бэрт буолан, син өр соҕус бириэмэни ылбыт. Кыратык тохтоон ылла да, мууһа көрдөрбүтүнэн тоҥон хаалара. Онтон илимин ылан ойбоҥҥо түһэрэ турдаҕына, уу түгэҕин диэкиттэн туох эрэ дьиибэ тыас иһиллибит. Өндөрөй, бастаан утаа муодарҕаабыттыы, тула өттүн эргиччи көрүтэлээбит. Ол эрээри ким да, туох да баар сибикитэ ончу биллибэтэх. Чуумпуран туран, хат иһиллээн көрбүт. Арай бэргэһэтин өрө анньан өйдөөн-дьүүллээн истибитэ, ойбон иһиттэн оҕо ыар ынчыга эҥсиллэргэ дылы гыммыт. Балыксыт аралдьыйыан баҕарбакка улаханнык наадыйбатаҕа буолбут да, оҕо ытыыра чугаһаатар-чугаһаан, ончу сүгүн балыктаппатах. «Тыый! Чахчы, ойбонтон иһиллэр ээ!..» диэн, анньыытын туппутунан, өр соҕус тура түспүт. Аны туран, ынчыга кыланыыга кубулуйбут. Ойбонтон тымныы, курас салгын саба биэрбит. Дьэ, ити кэннэ Өндөрөй этин сааһа аһыллан, көлөһүн бөҕө аллан, тыынара кытары кыараабыт. Түһэрбит илимин ороон таһааран, малын-салын хомуммахтаан, дэриэбинэтин диэки тэбиммит. Ол хаамар-сүүрэр икки ардынан далбаатанан истэҕинэ, оҕо энэлийэр ынчыгын быыһыгар «быыһааҥ!» диир хабыр хаһыы иһиллибит. Балыксыт тоҥ хаарга батылла, оҥхойго умса түһэн ыла-ыла, дойдутун иччититтэн ботугуруу-ботугуруу, көрдөһө-ааттаһа дьиэлиир суолун тутуһан түргэн үлүгэрдик айанныы турбут. Оҕо энэлгэнэ кинини батыһа сатаан баран, улам кэннигэр хаалан, тыал чыһыырар тыаһыныын силбэһэн, сүтэн, симэлийэн хаалбыт…
Итинник дьикти түбэлтэҕэ түбэспитин туһунан Өндөрөй дьоҥҥо мээнэ сонун оҥостон тарҕаппатах. Арай биир кырдьаҕас оҕонньорго айах атан кэпсээн эрдэҕинэ, киһитэ: «Чэ, бэйи… Кэпсээмэ, аньыы… Ол оҕолор эрэйдээхтэр өлүктэрин хас да сыл тухары көрдүү сатаан кэбиспиттэрэ да, кэлин оннук хаалан хаалбыта. Ону таһынан ити сир сэтэ-сэлээнэ хара баһаам буоллаҕа…» — диэн тохтотон кэбиспиттээх.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
09.11.2022 20:53

Ким билиэ баарай…?

Бу тубэлтэни аармыйа5а сулууспалыы сырыттахпына биир контрактник уол кэпсээбитэ. Хабаровскай кыраайга Князе-Волконское диэн дэриэбинэ аттыгар баар “Дождевик” гарнизонна буолбут. Рома Новосибирскай уобалас Куйбышев куоратыттан теруттээх. Биирдэ Ромалыын бойобуой дьуьуурустуба5а олорон абааьылар тустарынан кэпсэттибит. Онно Рома бэйэтин тус оло5ор биир дьиктини керсубутун кэпсээтэ. Ол курдук, кини контрагынан сулууспалыырыгар бу гарнизонна олороругар хос биэрбиттэр. Хоьо киьи кутун-сурун баттыыр, киьи тэьийэн олоруо суо5ун курдук, дэлби туунук буолбут истиэнэлэрдээх эбит. Уол ханна барыай, олороругар тиийбит. Кун-дьыл ааьан испит. Биир утуе кун суотабайын сутэрэн кэбиспит. Мэйиитэ эргийиэр диэри кердеен кербут да5аны, ханна да5аны суох эбит. Арай киэьэ улэтиттэн кэлбитэ, суотабайа остуол урдугэр сытар уьу. Рома иьигэр:“хара5ым ортотугар сыппытын, хайдах ейдеен кербетех ба5айыбыный?” дии санаабыт. Нэдиэлэ курдук буолан баран аны байыаннай билиэтин сутэрбит. Кердуу сатаан баран эмиэ булбатах. Ханна да5аны суох, мэлигир уьу. Дьининэн, хоьо оннук улахан буолбатах. Киэьэ улэтиттэн бутэн кэлбитэ, билиэтэ остуолун урдугэр сытар эбит. Бу сырыыга ытырыктата санаабыт. Ол кэннэ, дьэ, дьиэтин ким эрэ ыьар буолан киирэн барбыт. Биирдэ куоска о5отун ылан а5албыта, тууну быьа ньаа5ынаан баран, сарсыарда унитазка еле сытарын булбут. Аны туран уурбут мала барыта миэстэтиттэн сы5арыйар буолан барбыт. Биир сарсыарда сирэйин ким эрэ урэриттэн уьуктубут. Уутун быыьынан ейдеен кербутэ, икки-ус саастаах о5о турар эбит. Рома кутталыттан хаьыытаан то5о барбыт. Ол о5о кэннин хайыьа-хайыьа туалет диэки суурбут. Бу эрэ кэннэ билбит, малын ким кистиирин, оннуттан сы5арытарын. Ити быьылаан кэнниттэн Рома “Князе-Волконское 1” гарнизонна кеьен барбыт. Туох о5ото буоларын билбэт этэ. Кеннеру “Это маленькое чудовище хотел сомной дружить наверно” диэн кулэр этэ. Ба5ар, ити хоско олоро сылдьыбыт о5о ыар дьыл5аламмыта буолуо". Ким билиэ баарай?

Айсен Николаев-Лэнкэ

Ньурба улууьа, Хоро нэьилиэгэ

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
09.11.2022 20:54

Ампаар абааьыта сугуннээбэтэх

Бу тубэлтэ 50-с сыллар диэки Уеьээ Булуу улууьун Кырыкый нэьилиэгэр буолбута. Уйбаныап Уйбаан (Муосхаарыйа Уйбаан) булчут буолан, сэтинньи ыйга сайылыктан чугас (билиннитэ Кырыкый нэьилиэгин киинэ) Манчаарылаах диэн сиргэ бултуу сыппыт. Онно ампаар баарыгар киирэн туьуулэммит. Биир туун эрдэттэн маьын мастаан, аьын бэлэмнэнэн, аьаан баран, кэтэх тардыстан сытан табахтаабыт. Арай сытар сирин муннугар туох эрэ хаары хачыгыраччы уктээн кэлэн тохтообут, онтон ампаарын хаста да эргийбит. Киьибит туран аанын тэлэйэ баттаабыт. Онуоха суптугур бэргэьэлээх, со5отох атахтаах абааьы кетен туспут. Оьо5уттан кулу ылан хардыр5аччы ыстыы-ыстыы, тибиирэн иьэр уьу. Уйбаан керуех бэтэрээ еттугэр саатын хаба тардан ылан, ытан хабылыннарбыт. Абааьыта, саанан ыппытыгар, бала5ан аанын хайа быра5ан, таьырдьа ыстаммыт. Уйбаан тэьийбэккэ тиийэн оронугар эмиэ сытаатын кытта, хаары тэпсэр атах тыаьа били муннугун туьаайыытынан субу хачыгыраан тиийэн кэлбит. Ампаарын хаста да эргийбит. Биьиги киьибит туран ааны аспытыгар, абааьыта киирэн кэлбит да, оьо5ун кулун эмиэ сиэн кирдиргэтэн барбыт. Уйбаан эмиэ ытааччы буолбут, онуоха абааьы таьырдьа ойон тахсан мэлис гынан хаалбыт. Булчут абааьыны “сатаан хонноруо суох” дии санаан, кыра малын-салын, саатын-сэбин хомунан, ертенен турар атын сиэтэн, ыйдана аннынан сайылыкка тууннэри тиийбит. Хаалбыт сээкэйин кэлин киьини соруйсан ылларбыт этэ.

Яков Сергеев, Уеьээ Булуу улууьун Дуллуку нэьилиэгэ

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
09.11.2022 20:57

Кийииппит елерун билбитэ

Ус сыллаа5ыта кийииппит Сибиэтэ барахсан кун сириттэн соьумардык барбыта. Холку, нарын Сибиэтиккэбит, икки сиэммит кун-кубэй ийэлэрэ суох буолуо5а диэн ейбутугэр да батарбат этибит. Сайын сир аьын са5ана, о5олорун сиэппитинэн, тиритэн-хорутан мичээрдээн киирэрэ харахпар кестер. Киьи оло5о диэн дьикти да буолар…
Кини суох буолар сылыгар кыра уолбут ону-маны керер, туьээн баттатан туун уеьугэр хаьыытаан куттаталыыр буолбута. Биир туун сур улаханнык хаьыытаан барыбытын уьугуннарбыта. Эмиэ да уьукта5ас курдук, эмиэ да туулугэр улугунэйэр курдук “бар, бар!” диир. А5ата улту илгиэлээн уьугуннарбыта. “Тугу тууьээтин дуу, кердун дуу?” диэн ыйыталаспыппытын, муннукка Сибиэтэ турарын керен ендес гыммыт. Отой илэ курдук эбит. Кийииппит елбут киьи курдук туус манан сирэйдээх, хара5а мээнэнэн, айа5а субу ыыра баран эрэрдии уербут курдук, бу керен турар уьу. Уолбут хамсыы сатыыр да5аны хамсаабат, хаьыытыы сатыыр уьу да, кыаллыбат. Ол кэннэ ер эрэйдэнэн баран хаьыытаабыт. Долгуйан, уолбар эрийэн о5олору, кийииппин сураспыппын “этэннэлэр” диэн уоскуппута. Кийииппитигэр кэпсээбиппитин, “о5обун куттааммын” дии-дии кулээхтээбитэ.
Аны ол кэннэ, оскуолаттан кэлэн иьэн, а5ыйах миэтэрэттэн тэлгэьэбитигэр дьиэ иьигэр Сибиэтэ курдук дьахтар сылдьарын кербут. “Кимнэрэ буолла5ай?” диэн саныы-саныы, чугаьаатар-чугаьаан испит. Арай Сибиэтэбит тонуй сирэйдээх сылдьар эбит, дьиэ5э ааьан хаалбыт. Уол “кийиипппит кэллэ5э” диэн батыьан киирбитэ-ким да суох. Кэлин уолбут куттанар буолбута, бэл, сайын кийииппит кэлбитигэр син ер айах атан кэпсэппэккэ сылдьыбыта. Кийииппит онно хомойоохтообута а5ай…
Елере нэдиэлэ курдук хаалбытыгар уолбут Сибиэтэни эмиэ кербут этэ. Бу сырыыга туулугэр. Алааска сылдьар эбит. Онно муус-манан халадаайдаах Сибиэтэ куел аттыгар киэргэнэн-симэнэн а5ай олорор эбит. Уолбут чугаьаабытыгар “бараары олоробун, чугаьаама” диэбит.
Куьун… Аймахпыт уруутугар айаннаары тэриммиппит. Уолбут Сибиэтэлээ5и кытары биир массыынанан айаннаан иьэн туннэстибиттэрэ. Уолбут тебетун хайа туьуехтээ5ин, аттыгар Сибиэтэ олорор буолан быыьаммыт. Ол кун кемус кийииппитин сутэрбиппит кыьыылаах да этэ. Бу олорон саныыбыт: куьа5ан буолаары гыммытын тууйэн уолбутугар кестер эбит. Уолбут бутэьик туулун санаан, Сибиэтэ этэннэ сылдьара буолуо диэн уоскутунабыт. Атаарар куммутугэр муус-манан былааччыйа кэтэрдэн ыыппыппыт, уолбут ону керен баран:“Уут-укчу бу курдук олороро” диэн соьуппута…

В.Стручкова, Дьокуускай

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
09.11.2022 20:58

«УБАЙЫМ ЫҤЫРАР»

2009 сыллаахха этэ. Ийэлээх аҕабыттан көҥүллэтэн, аан бастакыбын таҥхалыы барар буоллум. «Төлкө» кинигэбин кууспутунан, эргэ бэкээринэҕэ доҕотторбун кыыта мустуох буолан үлэспиппит. Ыаллыы олорор уолум онно харабылынан үлэлиирэ. Болдьоспут кэммитигэр, дьэ, таҕыстым (хата, дьиэбиттэн чугас турара). Бэкээринэбэр тиийбитим табаарыстарым бааллара, бастаан кэпсэтэ түстүбүт. Онтон кинигэбитин «ааҕыахха» диэн буолла… Бары хайдах эрэ солуута суох күлэ — сала олордубут, өссө атын оҕолор кэлитэлээтилэр, онно аралдьыйан ыҥырбыт «киһибитин» кытары быраһаайдаспакка эрэ кинигэбитин сабан кэбистибит. Устунан төрүт даҕаны арыгылааһын буолан барда, мачайданыы бөҕөтө буолла. Саҥа кэлбит оҕолор быыстарыгар биир саҥа аармыйаттан кэлбит уол баара, олох өлөр ип-итирик этэ, дьаллараҥнааһын бөҕөтө буолла. «Чэ, айа, ньаҕайдаһан бүтүө суохтар», — диэн баран дьиэбэр таҕыстым, дьиэбэр тиийэн утуйан хааллым. «Саха сирэ» хаһыат,http://edersaas.ru
Сарсыныгар чэйдээн бүтэн, иһит сууйа турдум. Түннүгүнэн көрбүтүм били ыалым уол ийэтэ биһиги диэки кэлэн иһэр эбит. Дьиэҕэ киирэн баран: «Сүрэх эмтээххит дуо? » — диэтэ. ийэм ылан биэрдэ. Аны миигиттэн ыйытта: «Бэҕэһээ эн эмиэ баарыҥ дуо?», мин: «Баарым» диэтим. Онтон чочумча буолаат кэпсээтэ: «Бэкээринэҕэ бҕэһээ түүнү быһа охсуһуу бөҕөтө буолбуттар, аармыйаттан кэлбит уол ыйанан кэбиспит үһү» — диэн кэпсээннээх буолла. Мин ону истэн соһуйдум аҕай, этим тымныйталаата, бу маарыын эрэ көрбүт, кэпсэппит киһим ыйанан кэбиспит!.. Сарсыарданан биир дьүөгэм таһырдьа табахтыы турдаҕына уп-уһун хара күлүк курдук киһи сылдьарын көрбүт, онтон куттанан төттөрү бэкээринэҕэ куотан киирбит. Аармыйаттан кэлбит уолбут түүн биэс саҕана сыгыньахтанан баран киһи уҥуохтарын диэки сүүрэ турбут. Арай иһиттэхтэринэ «убайым ыҥырар» диэ да диэ буолар үһү (ол убайа кини аармыйаттан кэлиэн аҕай эрэ иннинэ өлбүтэ, сүрэҕэ тохтоон). «Ол быа эҥин суох этэ, хантан булбутуй?» — диэн ыйытааччы буоллум, онуоха ыал дьахтарым: «Тимир борубулуоханан», — диэн хоруйдаата. Кырдьык, аан аттыгар тимир борубулуоха сытар этэ, биһиги онтон иҥнэн охто сыһа — сыһа бэкээринэҕэ киирбиппит диэн саныы биэрдим. Өлбүт уол бэкээринэ түннүгүн барытын тоҕута сынньыбыт уонна хабарҕатын хайа сотто сатаабыт үһү, ону тохтоппуттарын: «Син биир өлөбүн, миигин убайым хаһыс да күнүн ыҥырар, түүнүн утуппаттар, илэ кэлэллэр, аргылаатахпына эрэ биирдэ суох курдуктар» — диэхтээбит үһү…

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
10.11.2022 22:47

ДЬИКТИ ТҮБЭЛТЭ

(таксист уол кэпсээнэ)

Бу түбэлтэ 2013 сыл сэтинньи ыйга Нерюнгри куоракка буолан турардаах.
Өндүрэй ыкса киэһэ бэнсиин харчыта оҥосто диэн, таксилыы тахсыбыта. Улахан күүстээх тыал түспүтэ хаһыс да хонуга. Диспетчер биэрбит аадырыһыгар тиийбитэ, подъезд аттыгар хараҥаҕа икки киһи сүөдэһэн тураллар, массыына кэллэ диэн, кыһаллыбат да курдуктар. Туох эрэ атын санааҕа аралдьыйан дуу, ылларан дуу, тураллара биллэр. Бу дьон такси ыҥырбыт пассажир буолбатахтар дии санаан, уол атын дьон тахсарын кэтэһэ олордо.
Онтон эмискэ били турар дьонтон модьу-таҕа көрүҥнээх, үрдүк уҥуохтаах эдэр киһи хап-сабар кэлэн, массыына аанын тэлэччи арыйда да, ыгылыйбыт куолаһынан нууччалыы биир тыынынан элбэх элбэҕи кутан-симэн кээстэ. Өндүрэй ол элбэх саҥаттан өйдөөбүтэ диэн, икки мөһөөҕү биэриэхпит, ханна эрэ бара охсон кэлиэхпит – диэн буолла. Ол тухары иккис хатыҥыр киһи дөйбүт курдук сонун саҕатын иһигэр төбөтүн ньыкыччы туттан, турбутун курдук турар.
Нуучча уолаттара таксига олордулар. Таксист быһаарсан билбитэ, арыгы көрдүү баран иһэллэр эбит. Ол арыгы ыла баран иһэр сирдэрэ син балачча ыраах баар буолан биэрдэ. Модьу-таҕа көрүҥнээх уол суоппар аттынааҕы олбоххо олорон эрэн, ыксаабыт куолаһынан саҥаран киирэн барда:

  • В наше время чтобы такое произошло… Такое я, вообще, не знал, -
    диэн чахчы да туохтан эрэ саллыбыт, уолуйбут киһи быһыытынан үрүт үөһэ хатылаа да хатылаа буолла.
    Онтон иккис хатыҥыр уол кэннэки олбоххо олорон, баһын быһа
    илгистэ-илгистэ, ботугуруу былаан, саҥарар. Өндөрөй өйдөөн көрбүтэ ити киһи туохтан эрэ кута көтүөр диэри куттаммыт көрүҥнээҕэ уонна биир кэм:
  • Я такого никогда не видел… Ни за что попал, я ничего не боялся, войну прошел, но тут такое… – дии-дии өтөр-өтөр баһын быһа
    илгистэр. Чахчы туох эрэ буолбут түбэлтэттэн саллыбыта дьүһүнүгэр-бодотугар да көстөр. Олох өй-мэй буолуор дылы уолуйбут уонна туохтан эрэ саһыан баҕарбыттыы сонун саҕатын өрө тардынан, сонугар сууланан олорор.
    Онтон суоппар аттыгар олорор уол:
  • Что с братом будет? Как нам быть? Что он таким останется навсегда? – дии-дии Өндүрэйү үүйэ-хаайа тутан киирэн барда.
    Таксист уол туох буолбутун соччо өйдөөбөтөр да, бу хоту сир итэҕэлигэр сыһыаннаах туох эрэ дьикти түбэлтэ буолбут диэн, сэрэйэ санаата. Били модьу киһи быһыта-орута да буоллар өрүсүһэ-өрүсүһэ, кэпсээн киирэн барда. Оттон биирдэрэ өйө көппүт курдук, эппит тылын хатылыы-хатылыы олорор.
    Дьэ, билсибиттэрэ – үрдүк уҥуохтаах модьу уол – Серега диэн, быраатын кытта инньэ Саратов куораттан вахтанан үлэлии кэлэ сылдьаллар эбит. Оттон ньолойбут хатыҥыр киһи - Толя – кинилэр табаарыстара. Бу үс нуучча уола киһи үөйбэтэх-ахтыбатах быһылааныгар түбэспиттэр эбит.
    Серега быраатынаан уонна Толя дьон көрдөһүүтүнэн Иенгра диэн эбэҥкилэр олорор бөһүөлэктэригэр биир киһини УАЗ массыынанан илдьэ барбыттар. Ол киһилэрэ мээнэ киһи буолбатахпат, быһатын эттэххэ, Чукоткаттан ааһан иһэр, бу күннэргэ Чита диэкки барыахтаах, ойуун буолан биэрбит. Бу соҕуруйуу дойду уолаттара ойууннааһын диэни истибиттэрэ да саарбах.
    Уолаттартан истэн билбитэ, сэтинньи ый 1 күнүгэр Иенграҕа олохтоох улахан ойуун - Савей кырдьаҕас Күн сириттэн барбыт эбит. Кини ыраах өбүгэтин ыырыгар аттанар тыала-кууһа буола турарын, Өндүрэй тута сэрэйбитэ.

Иенграҕа тиийэн, ыалга сылдьан баран ойуун Савей кырдьаҕас харалла сытар сиригэр илтэрбит. Көмүллүү баар сиригэр кыратык тиийбэккэ, массыынаны тохтоппуттар, аны туран ойууну кытта ким барсарый диэн буолбут. Туохтан да куттаммат, харса-хабыра суох киһи Толя тылланан, барсыбыт. Хаары оймоон, тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбиттэр. Ойуун кыырар кыаһаанын кэппит, дүҥүрүн таһаарбыт, үүт аһынан уонна арыгынан сирин-уотун аһаппыт. Уонна, дьэ, кыыран киирэн барбыт. Ону кытта хантан да кэлбиттэрэ биллибэт, суор бөҕө көтөн кэлэн, хас мас аайы саҥарбытынан, олорунан кэбиспиттэр.

  • Тут вороны со всех сторон подлетели, по деревьям расселись… сильный ветер поднялся… деревья начали между собой разговаривать… – диэн Толя дьэ кэпсээн ылла.

Туох барыта тыыннанан, иччилэнэн кэлбит. Мастар бэйэ-бэйэлэрин
кытта кэпсэтэн барбыттар. Туох да сүрдээх, киһини сууллары охсор тыал түспүт. Толя уол уйулҕата хамсаабыт, куттара көтө сыспыттар, сууллумаары маһы кууһан баран турбут. Хаһан да көрбөтөҕүн илэ көрбүт, хаһан да истибэтэҕин эт кулгааҕа истибит. Онтон ойуун кыыран бүтэн иһэн, кини диэкки эргиллибитэ, сирэйэ барыта кыа хаан, муннуттан, айаҕыттан хаан тохто сылдьар дьулаан көрүҥнээх эбит. Уол баттаҕа туруор дылы куттаммыт…
Туомун оҥорон бүтэн, ойууннара, массыынаҕа төннүөххэ диэбит. Толя өй-мэй буолан хаалан, аат эрэ харата салбыҥнаан, киһитин батыспыт. Массыынаҕа хаалбыт дьоннорун кытта Нерюнгри куоракка төннүбүттэр. Куоракка тиийэн, уолаттар тохтоон олорор дьиэлэригэр барбыттар. Ойууннара түүн өссө биирдэ кыырбыт уонна таһырдьа тахсан, балкон анныгар, подъезд аттыгар үүнэн турар маһы тула көтө сылдьан, үүт аһынан, арыгынан аһаппыт. Салгыы дьиэҕэ киирэн эмиэ кыырбыт. Арай, бу уолаттар көрөн турдахтарына, мастара истиэнэни курдаттаан, дьиэҕэ лабаалара сараадыйан, киирэн кэлбит.

  • И дерево через балкон залезло, - иһин түгэҕиттэн ыган таһаарда
    Толя куттаммыт кэһиэхтээх куолаһынан.
    Онтон, дьэ, кыыран бүтүүтүгэр кыа хаан буолбут сирэйдээх ойууннара үһүөннэрин туруоран баран, хас биирдиилэрин урут түҥ былыргы төрөөһүннэригэр, ким-туох буола сылдьыбыттарын барытын кэпсээн биэрбит. Уонна Серега быраатын иннигэр тохтоон, балачча уһуннук турбут, сыныйан көрбүт уонна урут төрөөһүнүгэр ураты ойууннуу дьарыктааҕын, үөһэттэн айдарыылааҕын эппит. Аны туран, дьэ, үрүүмкэҕэ толору арыгы куппут, аҥарын омурдан испит уонна иһитигэр хааныынан «хаах» диэн баран, ол уолга: «Ис», - диэн ууммут. Серегалаах Толя уолларыгар: «Иһимэ», - диэн этэн көрбүттэр да, киһилэрэ хааннаах арыгыны ылан түһэрэн кэбиспит.
    Дьэ, доҕоор, ол кэннэ, уоллара өҥүргэһинэн көрөн кээспит, муннуттан, айаҕыттан хаан тохтон киирэн барбыт, сирэйэ кыа хаан буолбут, киһи этэ тардар дьүһүннэммит. Толялаах Серега ыксаабыттар. Ол ыккардыгар ойууннара: «Уолгутун сарсын миэхэ аҕалаарыҥ», - диэн эппит уонна атын дьиэҕэ барбыт. Аны уоллара биир кэм тугу эрэ туойа-туойа, кутура олорор буолан хаалбыт. Тугу да гыныахтарын билбэккэ, Серегалаах Толя харааччы буккуллан уонна куттанан, саллан даҕаны бырааттарын сарсыныгар болдьоммут кэмҥэ ойууннарыгар илдьибэтэхтэр.Баҕар, бэйэтэ ааһыа диэн кэтэһэн, кэтэнэн өрөөбүттэр.
    Бу быһылаан барыта кинилэр күн өйдөөх сырыттахтары буолбутун, уолаттар мэктиэлээбиттэр. Оттон, дьэ, ыкса киэһэ ыксаан арыгы көрдүү бараары такси ыҥырбыттарыгар, Өндүрэй түбэһэ кэлбит. Таксист уол бу дьикти кэпсээҥҥэ эмиэ да итэҕэйиэн дуу, итэҕэйиэ суоҕун дуу билбэккэ, истэ олорбут, дөрүн-дөрүн ону-маны чуолкайдаан ыйыталаспыт. Оттон дьонноро аны Өндүрэйтэн син ону-маны удумаҕалатар дии санаан, быыһатаары, сүбэлэтээри, үрүт-үрүт үөһэ:
  • Как же нам быть, что с братом будет?- диэ да диэ буолбуттар.
    Онтон Серега өй ылан эппит:
  • Брата на телефон снимал. Вот это… Брат все время по-монгольски поет, - дии-дии телефонун Өндүрэйгэ ууммут. Таксист уол ылан көрбүтэ, уоллара олох ыраас эбэҥкилии кутура олорор эбит, тоҥ нуучча уола, бу үс киһиттэн – саамай эдэрдэрэ. Итини көрөн, Өндүрэй дьэ бүтэһиктээхтик итэҕэйбит. Уонна кини бэйэтэ хайдах саныырынан сүбэлээбит:
  • Бырааккытын балыыһаҕа көрдөрүмэҥ. Уонна ол ойууҥҥутун булуҥ, көмөлөстөҕүнэ, кини эрэ көмөлөһүө.
    Хата ойууннара сарсын сарсыарда эрдэ Читаҕа барар поеһы кэтэһэн, Нерюнгрига баар эбит. Онон:
  • Ойууҥҥутун булуҥ, «итинниги» кини бэйэтэ эрэ быһаарар кыахтаах, - диэн бүтэһигин сүбэлээбит. Уолаттар олус диэн махтаммыттар, арыый бэттэх кэбиттэр.
    Ити курдук араллааннах аргыстарын Өндүрэй били дьиэҕэ сараадыйан киирбит мастаах подъезд таһыгар аҕалан түһэртээбит.

Дьэ, ити курдук улуу кырдьаҕас, Савей ойуун дабыныгар аттанарыгар, баардааҕын биллэрбит эбит.

Варвара Корякина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
12.11.2022 00:19

«Ороһуоспаҕа көмүү»

Бу 1997 сыллаахха Нам улууьун киинигэр буолбут тубэлтэ. Теье кырдьыга, сымыйата биллибэт гынан баран кун бугунугэр диэри Нам олохтоохторугар, атын да улуустарга бу кэпсээн дьон уоьуттан туспэт. Дьэ ити курдук, 1997 сыл уунэр сылыгар тохсунньу ый сагаланыыта Намна биир олохтоох эр киьи елбут. Дьиэлээхтэр сыл сагаланыыта тубук бегеге туспуттэр. Агыйах эрэ хонуктаагыта сана сылы тэннэ керсубут киьилэрэ соьуччу суох буолбутуттан бары да аймаммыттара. Елбуттээги таьаарар кун оруобуна тохсунньу 7 кунугэр Ороьуоспага тубэспитэ. Дьинэр, елбут киьини Ороьуоспага хаьан да таьаарбаттар, угус дьон оннук куннэ тубэстэхтэринэ ессе биир кун сытыаран баран ненуе кунугэр 8 чыыьылага таьаараллар эбит. Ол гынан баран дьиэлээхтэр бу туьунан толкуйдаабатахтар, кунун ааган тураннар, Ороьуоспага киьилэрин кылабыыьага таьаарбыттар. Онтон киьилэрин кемен, дьиэлэригэр кэлэн баран саамай чугас дьоннорун кытта остуол тула олорон киьилэрин ахта-саныы олорбуттар. Арай ол олордохторуна дьиэлэрин аана тэлэччи аьылла туспут да били сип билигин кемпут киьилэрэ киирэн кэлбит. Бэйэтин кытта ессе дьоннордоох эбит. Уонна киьилэрэ:“Того миигин бугун Ороьуоспага кемтугут?” Диэн себулээбэт куолаьынан кытаанахтык санарбыт. Иннэ диэт дьоннорун батыьыннаран хос диэки ааспыттар. Дьиктитэ диэн, остуол тула олорбут дьон бары кербуттэр, бары истибиттэр. Билигин теье да кун-дьыл аастар, ити тубэлтэни угус дьон умнубат. Арааьа Ороьуоспа кун киьини кылабыыьага таьаарыа суохтааххын диэн кырдьык быьыылаах.

Нам олохтоого

«ДЭРИЭТИННЬИК КИЙИИТ»

Былыр Манаас нэһилиэгэр биир баай киһи олорбут. Биир уоллаах. Уол кэргэнин кытта эйэ дэмнээхтик хас да сыл олорбуттар. Оҕолоро суох эбит. Биир сайын кийиит кыыс тарбыйах эмтэрэ тахсан баран киирбэтэх. Хомнуо хойут туох буолла диэн тахсан көртөрө кийииттэрэ титиик оһүөтүгэр ынах быатынан ыйанан турар. Айманыы бөҕөнү айманан сарсыннытыгар кистээн кэбиһэллэр. Куһаҕаннык өлбүтүн иһин умса сытыаран буоругар хара быарыгар туһаайан төбөлөөх тэтин маһы анньаллар. Нөҥүө сылыгар уол ыраахтан эмиэ кийиит аҕалар. Сыл курдук олороллор. Арай кыһыныгар биир күн кийиит уолун аҕатыгар (тойонугар) иккиэн хаалбыттарыгар этэр:“дьэ тойонуом бука диэн оһүргэнимэ. Алдьархайдаах суолу кэпсээри гынным. Онон оһүргэммэккэ кыыһырбакка истэргэр көрдөһөбүн. Урукку кийииккит хас түүн ахсын түбүлээтэ дьоллоох олохпутун огдоолутта. Илэ бэйэтинэн кэлэр. Онтон бэттэх уолгут майгыта алдьанна миигин кырыылаах хараҕынан көрөр түүнүн түкүйэлиир күнүһүн кургуйдуур. Онон миигин ийэлээх аҕабар илдьэн биэр. Мантан түөрт уонча көстөөх сиргэ улуу ойуун баар. Онно баран ити күтүрү үүртэрэн көрүн. Оччоҕуна мин төттөрү кэлиэм диир. Оҕонньор ол кырдьыгын сымыйатын бэрэбиэркэлээри түүн утуйбакка суорҕан анныгар кэтэһэн сытар. Уоллаах кыыс хаппахчыларыгар киирэн утуйаллар. Арай түүн үөһэ хатанан турар ааннара тэлэс гынар. Уонна били икки сыллаҕыта өлбүт кийиитэ күлбүтүнэн мичилийбитинэн киирэн уоллах кыыс сытар хаппахчыларыгар ааһар. Сотору илэ дэриэтинньик уонна уол кулсэллэрэ салсаллара сурдэнэр. Сарсыарда кун тахсыыта дэриэтинньик тахсан барар. Ити кэннэ оҕонньор кийиитин дьонугар илдьэн биэрэр. Уонна били ойуунна сылдьан көрдөһөр ааттаһар. Ойуун түүн уөһэ кэлиэх буолар. Ханна сылдьыбытын кимиэхэ да кэпсээбэт. Кийиитим дьонугар сырыттым диир. Түүн дэриэтинньиктэрэ кэлэн эмиэ көр нар бөҕөнү тардыбыт. Оҕонньор иһиттэҕинэ ханна ыраах дүҥүр тыаһа дор гынар. Хаппахчы иһэ ылы чып буолан хаалар. Сотору буолаат дүҥүр тыаһа өрө ньиргийэн кэлэн дьиэни тас өттүттэн үс төгүл эргийэ көтөр. Онтон хатыылаах аан аһыллан дүҥүрдээх былаайах көтөн киирэн холумтан иннигэр дар гына туһэр. Иннэ гынаатын кытта ойуун илэ бэйэтинэн баар буола туһэр. Уулуу кырдьҕас аан аһыллан турар хотон иһин чарапчыланан көрөн олорор. Дьиэлээх киһи көрдөҕүнэ дэриэтинньик кийиитэ хотон ортоку баҕанатыгар баалан турар ынах диэки баран эрэр үһү. Ойуун ону көрөөт уһуутаабытынан хотон иһигэр киирэр. Тыас уус сүрдэнэр. Дүҥүр тыаһыыр. Хотонтон тахсан баран ойуун этэр :“дьэ сирэгэс иэнин иниирэ кылгаһа бэрт эбит. Мантан үс күннээх сиргэ тоҕус тумуллаах үс үрэхтээх Эбэ ортоку тумулугар үс аарыма тиити үмүрү тардан иэнин иниирин иниирдээн баайан кэллим. Кэлин улахан уот турдаҕына сөллөн барара буолуо. Чэ куттаныман ол эһиги уйэҕитигэр буолуо суоҕа”. диир. Ол кэннэ дэриэтинньик биллибэт буолбут. Уоллаах кыыс эйэ дэмнээхтик оҕо бөҕөнү төрөтөн олорбуттар.

Бу быһылаан кэнниттэн уонунан сүүһүнэн сыл ааспыт. Ыраах тыаҕа тахсыбыт булчуттар түүн дьахтар кыланарын истэллэр үһү. Кэлин улахан уот туран ол сири барытын салаабыт. Ол кэннэ Өлөнөктүүр суол ханнык эрэ сибиэбийэтигэр илэ дэриэтинньик буолбут дьахтар көстөр үһү диэн оҕонньоттор кэпсэтэр буолаллара.

«КЭННИБЭР КИҺИ СӨТӨЛӨ»

Дьэ маннык буолан турардаах. Уус-Алдан улууһугар Кэптэни бөһүөлэгэр дэриэбинэттэн хоту сытар Бодоҥо диэн алааска. Биир күһүҥҥү үтүө киэһээ икки убайдарбын кытта саалана, кустуу бардыбыт. Одинарка матасыыкылга үһүө буолан кыбыллан. Дьэ тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэн баран миигин биир алааска хаалларан баран бэйэлэрэ таһынааҕы алааска бардылар. Куспут тоҕус ааһыыта уон диэки көтөр этэ, алааһым иһэ түргэн баҕайытык хараҥарда, кыра дириҥ алаас оннук түргэнник борук-сорук буолар, мин кэтиир сирбин булунан олордум, убайдарым тиийээт ким-хайа иннинэ иккитэ-үстэ ыта оҕустулар, онтон дьэ миэхэ кустарым киирэн бардылар, мин эмиэ син балаччата ыта сатаатым да биир да куһу өлөрбөтүм. Онтон алааһым куула өттүгэр баран биэрдим, ыйдаҥанан сиэттэрэн көрөөрү. Дьэ алааһым иһэ олох борук-сорук буолан киирэн барда. Арай ол олордохпуна кэннибиттэн үөһээ диэкиттэн киһи сөтөллөрө уонна чалахайдаах силинэн тыынара иһилиннэ, ити миигиттэн быһа холоон эттэххэ чэ 30-ча эҥин миэтирэттэн иһиллэр этэ. Мин саатар кыараҕас баҕайы сиргэ киирэн олорбуппун, биир өттө уу, биир өттө барыта талах. Онтон туран өссө инним диэки баран биэрдим. Кыратык бараат биир табыгастаах миэстэни булаат эмиэ олордум, тыаспар бэйэм чугаһаан биэрээхтээбиппин уонна бэйэтэ эмиэ үөһээттэн хааман иһэр эбит, олох бу ыньчыктыы-ыньчыктыы кэннибэр чугаһаата, арыычча ойоҕолуу соҕус, хаҥас өттүбэр. Оргууй олорон иһиттим: “Бээ, ити туох буоллаҕай” - диэн. Олох чопчу киһи хаамара иһиллэр, уонна ыарахан баҕайытык тыынара. Төрүт куска да наадыйбат буолан киирэн бардым, ээ уонна кус көстүбэт да буолбута. Онно олордохпуна сотору-сотору үрдүбэр 2 хаххан кэлэн түһэ сатаабыттара эҥин, дьэ бу тыаһаан олох кэллэ, саам икки уостаах, үөһээ өттүбэр сүнньүөх иитинним, аллараабар көннөрү ботуруон, дьэ уонна кэтэһэн олордум. Баҕар туртас буолаарай диэммин. Дьэ бу олох аттыбар кэллэ, хаамтаҕына кыра сытар мастары тосторута үктүөлүүр уонна ыарахан баҕайытык тыынар, кырдьаҕас киһи курдук, хайдах эрэ куттанан хааллым, көрө да иликпиттэн. Эмискэ сылаас баҕайытык тыаллырбыта, дьэ онтон эмискэ олорон ойон турдум да хаһыытыы-хаһыытыы кини диэки бардым: “Кимҥиний!!! Таҕыс!!! Доо, чэ таҕыс, сордоомо!!!” - убайым буолуо диэммин иннэ эҥин дьиэтим, уонна утары саабынан тирии-тирии баран истим, кини тыа быыһынан мин диэки утары иһэр эмиэ, арай баран иһэн эмискэ түөспэр дылы андаатар уйатыгар “ЧОЛ” гынан хааллым, саабын быраҕан кэбиспиппин хата, таҥаьым ибиис инчэҕэй буолан хаалла, уонна бырыы да бадараан, эмискэ туран кэллим уонна саабын ылан кыратык бараат улаханнык 3-кэ диэри ааҕаат, үөһээ диэки мастарга ытан саайдым, онтон инним диэки көрдөхпүнэ арай туох эрэ талах кэнниттэн хара көрөн турар эбит. “Кимҥиний” диэн утары туһаайдым, онтукам тостубут мас эбит, олох киһи курдук этэ, арай дьэ эмискэ бу олох аттыбар, хаҥас өттүбүттэн тыынна, ыарахан баҕайытык, эмискэ көрбөккө ыттым кини диэки, уонна инним диэки бара турдум. Кыратык сүүрэбин уонна хаамабын, дьэ ырааһыйаҕа таҕыстым. Уонна кэтэһэн турдум, ессе ботуруон ииттэн баран, турдахпына тыына-тыына уонна кыратык сөтөллөр, олох киһи хаамарын курдук хаамар тыаһа иһиллэр. Оннук оргууй аҕай үөһээ тахсан бара турда, мин буоллаҕына өтөх диэки бара турдум, аартыкпыт ол диэки баар этэ. Дьэ онтон буолар-буолбутун кэннэ убайдааҕым дьэ тиийэн кэллилэр. Соннук буолан турардаахпын! Дьиэбэр тиийэн сарсыҥҥытыгар аҕабар кэпсээбитим, “Хайа, ол ынырык абааһылаах сир!!!” - дьиэбитэ, ким да онно сылдьыбат эбит. Убайдарым баттахтарын үргүү сыспыта. Буолаары буолан улахан дьон. Туох эрэ былыр куһаҕаннаах сир үһү. Арай аньыылааҕым - харалааҕым эбитэ буоллар көстөн сүрэхпин тохтотуо эбит дьиэбитэ үһү, дьэ иэдээн!

«АРАХПАТ АБААҺЫ»

Эбэм кырдьан олорон кэпсээбитэ сорох абааһы киһи үйэтигэр биирдэ көстөөт сүтэн хаалар, ханна эрэ айанныыр үһү. Оттон сорох абааһы олохсуйбут сирдээх буолар эбит. Сорох абааһы буулаан баран арахпат. Киһи көрбүт сиригэр куруук көрөр. Онтуларын аны сүгүн сылдьыбат киһини дьээбэлиир уонна күлүк курдук көстөн ааһар диэннэ арахсаллар. Хонтуорага саппыкылаах уһун сонноох киһи киирэн эрэрэ көстөөччу. Кими да тыыппат. Арай атагын тыаһа иһиллэччи. Оттон дьээбэлиир абааһы сүгүн сылдьыбат. Ол эрээри онтун эмиэ дьээбэлиир киһитин дьээбэлиир. Нэлэгэргэ звено отуулана сытар ампаарыгар обургу оҕо баар. Онно биир сайын Мэхээйилэп Сэргэй тахсан оттоһо сатаан баран хас да түүн баттатан сатаан утуйбакка таһырдьа балааккаҕа көспүтэ. Кинини оҕо кэлэн сордуура. Атаҕыттан соһор имэрийэр кычыгалатар суорҕанын былдьыыр хайыыр. Сэргэй ол аайы баттатар. Аны туран бытархай оторхой малбыт сүтэр. Оҕо ылар буоллага дии. Мин көрөбүн аны миигин чыычылыа диэн саллабын эрээри кимиэхэ да эппэппин. Сымыйаччы аатырыам, дьону да куттуом диэн.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
17.11.2022 22:25

ИЧЧИЛЭЭХ ООННЬУУР!

Мин оҕо сылдьан наһаа чобуо, ону маны барытын билэ сатыыр, бэйэм олох туспа эйгэбэр остуоруйа дойдутун өйбөр оҥорон көрөр дьиибэ, хайдах эрэ оҕо эбиппин! Биэс сылы быһа куоракка санаторийга, оҕо балыаһатыгар сыппытым оҕо сааһым улахан аҥаара бу эмиэ сабыдыаллаабыта буолуо. Онно сылдьан бастакы кылааска киирбитим, түргэн баҕайытык барыларынааҕар ааҕа, суоттуу үөрэммитим, наар биэһи ылар этим. Ийэбэр бастакы суруктарым, открыткаларым өргө дылы бааллар этэ. Ол быыһыгар мөҕүллэрим да элбэх этэ, ону маны кэпсээн ипсээн дьэ кыыс оҕото этим! Чэ, ол хааллын, кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан оҕо бөҕөтө интернаакка олорор этибит, эргэ соҕус дьиэҕэ үс кирпиичэ, биир тимир буочука оһох баара, дьэ бары кыралыын улаханныын мас киллэрэр нуорума эбээһинэстээх этибит, үлэ элбэх, хаар күрдьээһинэ, туспа остолобуойга дьуһуурустуба эҥин буолунай үлэ! Интернаакка биир хоско учуутал олороро, үс оҕолоохторо, кэргэнэ онно остуорастыыр, түүҥҥү ньээҥкэлиир этэ. Кыһыары күһүн быһыылааҕа, бадаҕа, биир күн икки сыры сыллатааҕы биирдээх-иккилээх кыргыттар улаханнык ыарыйдылар. Самолётунан оройуон киинигэр суһаллык бардылар, онтон аҕыйах хонугунан оҕолор барахсаттар өрүттүбэккэ утуу субу “айаннаахтаабыттар” этэ! Учууталбыт малын салын кэлэн хомунан көһөн барбыта. Кинилэр барбыттарын кэннэ иччитэх хоско арай аҕыйах оонньуур хаалбыт этэ, мин биир кыра бүлүүс, икки хап хара килэппэччигэс оҕуруо харахтардаах, собуоттанар эһэ миискэни ыллым, тутатына таптаатым! Миша диэн ааттаатым, онтукайым собуоттаах этэ, илиитэ атаҕа хамсыыр, уонна айаҕын атар кып кыһыл тылчаанын быктарар этэ! Дьэ Миша миэхэ оҕом, табаарыһым буолла, собуота бүппутэ, күлүүһэ суох этэ, ол да буоллар олох бэйэбиттэн харыс да араарбакка илдьэ сылдьыбытым. Өрөбүл күннэргэ дьиэбэр илдьэн дьэ ый ыһыаҕын оҥорорум, саамай күндүбүн барыта Мишенькабар, араас дьэрэкээн ойуулаах таҥас кыраһыннарыгар суулаан, саамай күндү чааскыбыттан тһиппиттэн аһаппыта буоларым, мунньар значоктарым, открыыткаларым, кэмпиэт суулара барыта Мишенькаҕа! Санаабар барытын өйдүүр курдук, араас остуоруйа, хоһоон бөҕөтүн ааҕабын, кэпсиибин, ырыа да ыллыыбын! Күлэр, ытыыр, саҥарар курдук буолбута кэнникиннэн. Интернаакка киэһэ утуйууну биллэрдилэр даҕаны уоту араараллар, уон иккигэ түүн станцияттан сарсыарда алтаҕа диэри араараллар этэ. Наһаа куттас бэйэм дьэ Мишам баар буолан кутаммат да буолбутум, суорҕаным анныгар сытан эрэн дьэ күммүт саҕаланар. Кыргыттарым бастаан тугу гынаҕын ити дииллэр этэ, онтон кэнники олох да кыһаллыбат буолтара. Аны бара утуйбуттарын кэннэ орун анныгар дьиэлэнэр буолбуппут, сыттыкпын суорҕаммын онно соһон киллэрэбин. Түннүгүнэн ыйдаҥа сырдатар, остуорас эмээхсин этэрбэһин тыаһа сырылыыр, хайдах эрэ дьиктиргээбэт этим, тоҕо хараҥаннан хаамыталыыра буолуой диэн! Кэлин санаатахпына куйахам күүрэр, ол түүннэри туох туох иччитэ хаамылыыра эбитэй диэн! Мишам саҥа таһааран күлэр, саҥарар, ону мин эрэ истэбин. Биир күн сарсыардаттан ыалдьан оскуолабар барбатым, күнү быһа чэй ыймахтыы ыймахтыы сыттым. Түүн дьэ арай саҕаланна ээ, аат дайдыта! Мишам оонньоору ыҥыран көрдө, онтон кыйаханан киирэн барда, санаабар үллэн улаатан киирэн барда, дьэ үрдүбэр эккирээн, охсуолаан киирэн барда, ырдьыгыныыр, ытырар, саамай ынырыга диэн баттахпыттан ылан орун анныгар соһо сатыыр, тугум барыта бүттэтэ суох ыарыйда! Дэлби ытыыр, хаһыытыр курдукпун да испиттэн саҥам тахсыбат, тула өттүбүн көрөбүн, ким да тугу да истибэт. Сарсыарданнан аттыбар сытар кыыс мин өрө мөхсөрбүттэн, ынчыктыырбыттан уһуктан остуораһы ыҥырбыт этэ. Биэлсэр кэлэн гаазигы ыҥыттаран кииҥҥэ илдьибитэ, Уус Ньараҕа сан рейсиннэн илпиттэрэ, онно олох өйбүн сүтэрбиппин быһыылаах, балыаһаттан кэлэн баран дьиэбэр олорбутум, Миша туһунан умнубутум, ыйыыталаһа да барбатаҕым. Кэлин кэпсээбиппэр ол остуорас эбэм өлбүттээхтэр тыыннарын, куттарын иҥэриммит иччилээх оонньуурга түбэһэн ситэ сыспыккын диэбитэ!

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
18.11.2022 18:31

Өлбүт дьахтар

Бу дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни миэхэ эбэм кэпсээбитэ.

Урут, кыра эрдэхтэринэ, бөһүөлэк оҕолоро бары мустан киэһэ аайы, үгэс курдук, оонньуур-көрүлүүр, мээчиктиир эбиттэр. Бөһүөлэк кыра буолан, дьон бэйэ-бэйэлэрин наһаа үчүгэйдик билсэллэрэ үһү.

Киэһээҥҥи ыам кэнниттэн оҕолор үгэстэринэн чугастааҕы алааска оонньуу тахсыбыттар. Астына оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн баран, күн бүтэһик сардаҥалара арҕаа куула тыаҕа киириэхтэрин иннинэ дьиэлэригэр тарҕаспыттар. Эбэм дьүөгэтиниин дьиэлэригэр сырсан иһэн уун-утары олохтоох эдэр дьахтары көрсө түспүттэр. Ол дьахтар киэһэ аайы күөлгэ оҕуруотугар уу баһа киирэрэ эбитэ үһү. Дорооболоспуттарыгар дьахтардара уруккутун курдук үөрэ-көтө хардарбатах, төттөрүтүн, хайдах эрэ мух-мах туттан, сирэйин кистээн, умса көрөн баран ааһа турбут. Оҕолор дьиктиргээбиттэр эрээри, улахаҥҥа уурбакка сүүрэн элээрэ турбуттар. Арай ол дьахтар дьиэтин таһынан ааһан истэхтэринэ, дьон-сэргэ мустубут эбит. Кырыы-кырыытынан айманан турар киһи быыһынан өҥөйөн көрбүттэрэ, били, соторутааҕыта көрсүбүт дьахталлара тиэргэнигэр өлө сытара үһү. “Онтон наһаа куттаммытым уонна дьиибэргээбитим” диэн, эбэм кэпсээнин түмүктээбитэ.

Биир күһүн

Биир күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, ыраах Амма уҥуор отторбор күрүө туруора бардым. Онно атаспыныын күөл үрдүгэр кыттыгас үүтээннээхпит. Атаһым, ойоҕо ыалдьан, оройуон киинигэр киирсибитэ.

Дьиҥэр, күрүө оҥорон баран иккиэн кустуу түһүөхтээх этибит. Ол былааммыт табыллыбатаҕа. Онон соҕотоҕун кэлээскэлээх матасыыкылбын холхуос паромунан туоратан, элээрдэн иһэн, аара суолга моһуогуран, киҥим-наарым холлон, ходуһабар кыратык хойутаан кэллим. Бириэмэ ырааппыт, онон үүтээммэр тиийэ сорумматым. Тута ходуһаҕа хаалан күрүөбүн оҥорбутунан бардым. Бу күрүө саҥа буолан, маһа-ото барыта биир оннук. Инньэ гынан киэһэлик сылайыы бөҕөтүн сылайдым. Үүтээммэр нэһиилэ сүөдэҥнээн тиийдим. Сарсыарданан кустаан баран төннөр санаалаахпын. Онон чэй оргутан, ыһыкпын мотуйан баран, сылаам таайан, наара ороҥҥо олорон эрэ утуйан хаалбыппын. Арай түүн оройо туох эрэ тыаһыттан уһуктан кэллим. Үүтээним иһэ ыас хараҥа. Өйдөөн көрбүтүм, доҕоор, оһоҕум таһыгар ким эрэ күлүгэ барыаран турарга дылы. Алаадьы астыыр курдук туттар-хаптар, арыы тыаһа биир кэм сып-сырылас. Оһох буоллаҕына, бу сайын ардахха оттубуппутуттан оттуллубакка турара. Олус диэн соһуйдум, куттаныах да буолан бардым. Онтубун кыйдаары улаханнык сымыйанан сөтөллүбүтэ буоллум. Били, алаадьы астыырга дылы күлүгүм ах баран хаалла. Арай куһаҕан баҕайы сыт-сымар аҥылыйан муннубар саба биэрдэ. Мин, дьэ, дьиҥнээх абааһыга түбэспиппин диэн өйдөөтүм. “Хайдах баҕайыный? Саҥа үүтээҥҥэ туох абааһыта кэлбит үһү?” диэн санааҕа-онооҕо ыллардым аҕай. Курбар иилинэ сылдьар сахам быһаҕын кыыныттан хостоотум, эрэх-турах санааланным. Абааһы саба түһээри гыннаҕына киирсиэҕим дии саныыбын уонна биир уһугунан сарылыы түһэн баран таһырдьа ойуохпун баҕарабын. Ааным оһохтон чуп-чугас турар. Онон күтүр тааҕы-таах харбаан ылар кыахтаах. Инньэ гынан тыыммакка эрэ олордум ээ. Оттон абааһым тугу эрэ буһарбытын курдук буһара турда. Хобордооҕо сүрдээх улахан быһыылаах. Наар кут да кут буолар. Оннук тыҥ хатыар диэри сырылатта. Сырдык түннүгүнэн киирээтин кытта били күлүгүм уонна куһаҕан сыта-сымара сүтэн хааллылар. Мин көһүйүү бөҕөтүн көһүйбүт да буолларбын, тута таһырдьаны былдьастым. Ыраас салгыны толору түөспүнэн тыынан баран, уот оттон, сирим-дойдум иччилэриттэн көрдөстүм-ааттастым. Ол кэннэ үүтээммэр соҕотоҕун хоно иликпин. Ол ынырык түүн иккистээн хатыланнаҕына, бука, сүрэҕим хайдыа диэн куттанабын.

Дьиҥнээх түбэлтэ

Аҕам урут кэпсээбит иччилээх кэпсээнин ааҕааччыларга хайдах өйдөөн хаалбыппынан тиэрдэргэ соруннум. Хаһан даҕаны хаһыакка суруйбатах кырдьаҕас, тылым-өһүм арыыйда судургу соҕус буолара буолуо.

Урут-уруккуттан “уус тыллаахтар”, “суруксут оҕонньоттор” ахсааннарыгар киирбэппин. Үйэм тухары төрөөбүт бөһүөлэкпэр холкуоска, сопхуоска, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. Ол да буоллар былыргы сэбиэскэй хаһыаттары уонна сурунааллары оронум баһыгар ууруна сылдьан сөбүлээн ааҕааччыбын. Онон үөрэҕэ суох оҕонньор суруйуутун тыла-өһө мөлтөх диэн, наһаа баалаабаккытыгар көрдөһөбүн.

Былыр аҕам оҕо сылдьан кыайан утуйбакка эрэйдэнэ сыппыт. Күһүҥҥү түүн ыйдаҥалаах халлаана хос иһин сырдатара эбитэ үһү. Арай ол сыттаҕына, оһох кэнниттэн кыра уҥуохтаах оҕонньор тахсан кэлбит уонна оһох үрдүгэр ыттан олорунан кэбиспит. Ый уотугар баттаҕа маҥхайан көстөрө үһү. Аҕам ол дьикти оҕонньору көрөн, дэлби куттанан, атахтаһан утуйа сытар эдьиийин уһугуннарбыт. “Көр-көр” дии-дии оҕонньору ыйбытыгар, анараа күтүр кинилэр диэки уоттаах хараҕынан көрбүт. Оҕолор куттанан, суорҕанынан бүрүнэн кэбиспиттэр. Оҕонньор кинилэргэ хааман сырдырҕаан кэлэрэ иһиллибит. Суорҕаны кыратык тардыалыыр курдук буолбут. Онтон кинилэри утары утуйа сытар убайдарын оронугар сырдырҕаан тиийбит. Ол баран орон үрдүгэр тахсар уонна долбууртан кыптыыйы ылар тыаһа иһиллибит. Сотору буолаат, абааһы тугу эрэ кырыйан барбыт. Аҕам суорҕан анныттан кистээн көрбүтэ, оҕонньор атын хоско ааһан хаалбыт. Былыр аҕам дьоно аах биир эдэр ыаллары кытта дьукаахтаһаллара эбитэ үһү. Ол дьон кыһыл оҕолоохторо үһү. Өр-өтөр буолбатах, эһээхэй оҕо ытаан эйээрэн бырбыт. Аҕам эдьиийиниин дьонноро турбуттарыгар түүн тугу көрбүттэрин кэпсээбиттэр. Били абааһы оҕонньор убайдарын үрдүгэр кумааҕы кырыйбыт кыырпахтара сыталлара үһү. Ол кэнниттэн аҕам утуйарыгар сыттыгын анныгар наар саха быһахтаах утуйар буолбут. Оттон били ытаабыт оҕо өр буолбатах, сотору буолаат, иһэ таарымталанан өлөөхтөөбүт. Оттон убайа сааһыары эмискэ сөтөл буолан, эмиэ күн сириттэн күрэнээхтээбит. Онтон ыла били абааһы оҕонньордоро биирдэ да көстүбэтэх.

Добавить комментарий