Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьиҥнээх олохтон

Главная / Кэпсээннэр / Дьиҥнээх олохтон

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 178
05.11.2022 11:06
7k 4

Содержание

Хараҕа суох Байбал

(дьиҥнээх олохтон)

Бастакы Суотту нэһилиэгэр Сарын диэн алааска олохтоох Охулуокаптарга уол оҕо төрүүр. Уолу эһэтин аатынан Байбал диэн сүрэхтииллэр. Байбал, оҕо-оҕо курдук, кэмигэр хаамар, тылланар. Ол гынан баран, икки хараҕынан тугу да көрбөт буола улаатар.
Ыаллар, күҥҥэ көрбүт, соҕотох уолларын харахтаары, ойуун бөҕөтүнэн кыырдараллар, отоһуттарынан араастаан эмтэтэн да көрөллөр. Туһа тахсыбат.
Кэлин ыраахтан, Тааттаттан сылдьар улуу, аата ааттаммат ойууҥҥа көрдөрөллөр. Ойууннара хараҥа балаҕаҥҥа, хас да чүмэчини биир сиргэ уматар уонна уолу, сиэтэн аҕалан, чүмэчилэр иннилэригэр туруорар.
Ойуун куурусса сымыытын саҕа үрүҥ тааһы чүмэчилэр уоттарын сырдыгар кыһайа тутан туран:
-Хайа, һыллы, тугу эмит көрөҕүҥ дуо? - диэн ыйытар.
-Туох эрэ, кыра болоорхой көстөргө дылы, - диир Байбал, дьиҥ чахчы көрүөхтүү чыпчыҥныы-чыпчыҥныы.
Ойуун сылааһынан илгийэр ытыстара Байбал сүүһүн, төбөтүн, дьикти уратытык угуттуур.. Байбал бу, абылаҥнаах илии угутугар төһө баҕарар олоруох курдук.
-Оҕоҕут хараҕа төрүөҕүттэн көрбөт эбит. Ким да кыайан эмтиэ суоҕа. Наһаа хомойумаҥ, уолгут бу, Орто дойдуга кимтэн да итэҕэһэ суох, олоҕу олоруоҕа. Көрөөрүҥ даҕаны, истээриҥ даҕаны.


От үлэтэ үмүрүйэн, тыа дьонугар, кылгас да буоллар, сынньалаҥ кэм кэлэн турар. Кыратык тыын ылан баран, холкуостаахтар бурдук хомууругар турунуохтара. Быйыл ардах кэмигэр түһэн, өҥ сайын буолла. “Кыһыл Сата” холкуос окко сорудаҕын толордо, бурдук да үүнүүтэ үчүгэй. Сэрии аас-туор сыллара ааһаннар, дьон санаата көнньүөрдэ. Хайа уонна, сэрииттэн тыыннаах эргиллибиттэр эбиллэн, үлэ күөстүү оргуйда.
Бу бүгүн, атырдьах ыйын бүтүүтэ, бэрт ылааҥы күн, сытыары охсуулаах дьиэҕэ, субуруччу тадыллыбыт остуолларга, уонтан тахса соҥуорбут дьон саҥата суох аһыы олороллор. Киирээти кытары тута харахха быраҕыллар алтан самабаар остуол саҕатыгар “мин аҕайбын” диэбиттии күлтэллэн турар. Алааппыйа эмээхсин, күрүҥ дьүһүннээх былаатын уһугунан хараҕын уутун сотто-сотто, ыалдьыттарга чэй кутуталыыр. Барыта кэри-куру.
Дьон быыһыттан ““Кыһыл Сата” холкуос бэрэссэдээтэлэ Сөдүөт туран кэллэ. Көхсүн этиппэхтээтэ, хас сүүстэ сууллан, кубарыйбыт кимнэстиэркэтин көннөрүммэхтээтэ. Тула олорор дьону ааҕа көрдө уонна:
– Дьэ, доҕоттоор, бүгүн биһиэхэ кутурҕаннаах күн үүннэ… - тугу салгыы этэбин диэбиттии, аһаҕас аанынан таһырдьаны одуулаата. - Биһиги дойдуга улаханнык ытыктанар, сир түннүгэ кырдьаҕаспыт, Байбал Охулуопкабы тиһэх суолугар атаарыы остуолугар, үөлээннээхтэрэ, аймахтара муһуннубут. Байбал төрүөҕүттэн хараҕа да суох буоллар, улахан олоҕу олордо дии саныыбын, уонна Байбал туһунан ахтыы оҥороругар көрдөһүөм этэ үөлээннээҕиттэн, Уйбаан оҕонньортон.
Сэҥийэтигэр сэксэйбит маҥан бытыктаах, иҥииринэн хаппыт оҕонньор, саҥараары оҥостор быһыынан, тугу эрэ ыстаан эрэрдии, сыҥааҕын энньэҥэлэттэ:
– Бээ, доҕор, мин олорон эрэ саҥарыым, атах да ыалдьар.
– Оннук, - Сөдүөт дьаһайа үөрэммитинэн, биир тылынан этэн кэбистэ.
– Бээ, доҕор, Байбаллыын олох эт саастыыбыт ээ. Ол аата, тыһыынча аҕыс сүүс аҕыс уон сыллаахха төрүүбүт. Кинилэр Сарыҥҥа, биһиги Кустуктаахха. Хараҕа суох хайа аанньа буолуой?..
Оҕо сылдьан эрэйдэнээхтиир да этэ, өлүөхсүт. Биирдэ санаан көрдөххө, сүрдээх суол буолар эбит, күн сырдыгын, тулаҕын көрбөт диэн. Дьон кэпсээнинэн эрэ билэ сылдьааахтаатаҕа.
– Туох аанньа буолуой…
– Айылҕа атаҕастаатаҕа…
– Оннук бөҕө буоллаҕа.
Онтон-мантан дьон сөбүлэһэллэрин биллэрдилэр.
– Оннук. Сахаҕа саар тэгил уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх уола хаан этэ. Оҕо эрдэҕиттэн дьиэ эргин туохтан да иҥнибэккэ сылдьара. Дьонтон итэҕэһэ суох үлэлиирэ-хамныыра ээ, - Сиидэр да билэр киһитэ буоллаҕа, арыылаах алаадьыны минньигэс бэйэлээхтик ыстаан ыллаҥнатар. - Байбал, көрбөт буолан эбитэ дуу, истэр дьоҕура сайыннаҕа дуу?.. Оҕо сылдьан, көтөр-сүүрэр саҥатын истэбин, кыыллар-көтөрдөр син киһи курдук кэпсэтэллэр ээ” диирин, биһиги обургулар, итэҕэйиэхпит баара дуо, хата күлүү гынар этибит. Оччолорго, төһө да орой мэник буолларбыт, аһынан эбитэ дуу, наар сиэтэн илдьэ сылдьарбыт. Сырса оонньуур кэммитигэр, тыа саҕатыгар чөкөллөн олороохтооччу. Сылайан сынньанар кэммитигэр Байбалбыт кэпсээнэ дэлэй буолааччык. “Истэҕит, ити чыычаах туох диирин? Ийэ чыычаах барахсан атыырын мөҕөр. “Олох оҕо көрүүтүгэр кыһаммаккын, ас булбаккын. Наар күүлэй тэбэҕин,” - диэхтиир. Биһиги Халлабыт курдук, сүрэҕэ суох эбит,” - диэн оттомуран олорон кэпсиирин син итэҕэйэр курдук этибит ээ.
– Оҕо сылдьан, Байбал хомуска оонньуурун истэн турардаахпын, -куораттыы мааны таҥастаах, учуутал үөрэхтээх, ырааҕынан Байбал аймаҕа Хаппытыан Бөтүрүөбүс, кэпсиэхпин сөп дуо диэбиттии, уҥа

илиитин уунна. - Син бачча сааспар диэри араас хомусчуттары иһиттим ини, истибэтим ини. Дьэ, Байбал курдук имэҥнээх оонньооччуга түбэһэ иликпин. Ол, тымныы үгэннээн турар кэмигэр хомус дьүрүскэн тыаһынан самаан сайыны санаппыта сүрдээх этэ. Хомус алыптаах тыаһынан бэйэтигэр тардар күүһүн онно билбитим. Араастаан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр саҥатынан дьүрүһүтэн, истэн олорооччулар бары, хомус алыбыгар киирэн хаалбыппыт. Байбал ооннньоон бүппүтүн да кэннэ өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын хомус абылаҥар ылларан, өр чуумпуран, иһийэн олорбуппут.
– Кырыымпаҕа оонньуу-оонньуу, куолаһын уларыта-уларыта ыллыыра даҕаны ураты этэ,- Сөдүөт көхөҕө ыйанан турар кырыымпаны көрөн ылла. - Дьиҥинэ, улуу олоҥхоһут буолуо этэ, үөлээннээҕэ Наара Суох курдук.
– Ээ, ол Наара Суох оҕо эрдэҕиттэн Байбалы дьээбэлиирэ бэрт этэ. Наара Суох сааһыран да баран, бэтиэхэтэ баппакка, ыллыгынан иһэр киһиэхэ туора сытыа дуо, охтороору. Хата Байбалын: “Бу, хайалара кэлэн, суолбар туора сытта? Хата, үчүгэй аҕайдык тайаҕынан дьөлүтэ кэйиэм ээ, " - диэн соһутара үһү, - Уйбаан сөҕөн баһын быһа илгистэр.
– Уйбаан, Байбал хайдах куолакал охсооччу буолбутун ыл кэпсээ эрэ, - Хаппытыан Бөтүрүөбүс көрдөстө.
– Бээ, доҕор,. Куолакалы диэ. оччолорго уончалаах оҕолор буоллахпыт. Төрөппүттэрбитин кытары Кыһыл кырдалга турар таҥара дьиэтигэр таҥараҕа тиксэргэ өрүү саппай уопсар этибит. Хор, онно Байбал куолакал тыаһын олус кэрэхсээн истибитин бу баардыы өйдүүбүн. Бээ, доҕор, онтон ылата олох арахсыбат буолла ээ, Байбалым, таҥара дьиэтиттэн. Сыыйа лөчүөгү кытта билсэн, доҕордоһон букатын даҕаны куолакал охсорго үөрэнэн барда ээ. Ону аҕабыыт да, уол дьоҕурдааҕын биллэҕэ буолуо, утарылаһа барбатаҕа. Хата өйөөбүтэ. Бээ, доҕор, арай биирдэ, ханнык эрэ таҥара күнүгэр, куораттан үрдүк сололоох аҕабыыт тахсар диэн буолла. Өлүү түбэлтэлээх, куолакал охсооччулара улаханнык ыалдьан сытан хаалан, улахан мучумааҥҥа түһэ сырыттахтарына, лөчүөк өй булан, Байбал уолу ыҥырарга эттэ. Аҕабыыт сөбүлэһэн, Байбалы сыарҕалаах атынан тиэйэн аҕалан, колокуонньаҕа таһааран куолакал оҕустараллар. Байбал дьикти кэрэ тыаһы таһааран охсо турдаҕына, торуойка атынан, кибииккэлээх сыарҕаҕа тиэллэн кэлбит, үрдүк сололоох аҕабыыт куолакал тыаһын балачча өр, олус сэргээн, истэн баран, иһирдьэ киирбэккэ туран: “Звонарьгыт Саха сиригэр баар звонарьдартан бастыҥнара эбит. Куоракка улахан церьковка звонарынан ылабын. Служба бүттэҕинэ сирэй көрсүһүннэрэн билиһиннэрээриҥ,” - диэн эппит, ол кэннэ биирдэ сиэркэпкэ киирбит. Сулууспа кэнниттэн Байбалы кытары сирэй көрсөн, сөбүлээн, тылын ылан, сарсыҥҥытыгар куоракка илдьэ киирэр. Бээ, доҕор, ити курдук, Байбал айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун, айыы таҥара көмөтүнэн, үчүгэй киһи таба истэн, куорат улахан сиэркэбин, хамнастаах үлэһитэ, куорат олохтооҕо оҥорор, һэ-һэ, - Уйбаан, кэпсээнин дьон сэҥээрэрин билэн, астыммыттыы тиэрэ чинэрийдэ, убаҕас бытыгын имэриммэхтээтэ.
– Дьэ кырдьык, дьоллоох түбэлтэ эбит. Ол, нуучча аҕабыыта таба тайамматаҕа буоллар, Байбалын алааһын балаҕаныгар үйэтин моҥоохтуо эбит ээ… - Хаппытыан Бөтүрүөбүс Байбалы санаан соҥуоран олордо.
– Байбал олоҕо куоракка, нуучча эйгэтигэр, аастаҕа. Онон, нууччалыы билэрэ бэйэтин киэнэ буоллаҕа. кэлин куорат уулуссаларыгар, күөх баһаарга, атыыһыттар лааппыларыгар сирдьитэ суох көҥүл сылдьара ээ, - биэс уонун лаппа ааспыт, от охсуутугар иннигэр киһини түһэрбэтэх, ааттыын Хотуурдаах Киргиэлэй сөҕө-махтайа кэпсиир, - Хата, биһиги биирдэ эмит куоракка киирдэхпитинэ сирдээн, эппитин-арыыбытын сөптөөх сыанаҕа батаран уонна онтон эргиммит харчыбытынан атыыһыттартан туохха наадыйарбытынан удамыр сыанаҕа булан көмөлөспүтэ төһөлөөх элбэх буолуой? Дьэ, дьикти диэбэккин дуо? Төрүөҕүттэн хараҕа суох киһи өлүөр дьоҥҥо сирдьит, булааччы-талааччы буолара?
– Бээ, доҕор, ити кырдьык. Байбалы куоракка нууччалыын, татаардыын бары билэллэрэ. Эгэ, сахалар, - Уйбаан үөлээннээҕинэн киэҥ туттара өтө көстөр.
– Байбалыҥ дьоҕура толору аһыллан хайҕаныан хайҕаннаҕа. Кэлин куорат олохтоохторо кини куолакалы охсорун ала-чуо арааран истэр буолбуттар. Биирдэ эмит куолакалы тыаһаппатаҕына суохтаан ыйыталаһар эбиттэр. Оннооҕор улуустарга саҥа таҥара дьиэтэ арыллан, сибэтии гыналларыгар Байбалы илдьэн, куолакал оҕустарар идэлэммиттэр эбит ээ. Дьэ оннук, Байбалыҥ нууччалар сабыдыалларынан биллиилээх киһи буола үүнэр, - Сөдүөт сөҕөн чыпчырынан кэбиһэр.
– Бээ, доҕор, хата Байбалыҥ, куорат төрүт олохтооҕун, бааһынай кыыһын ойох ылан, Миитэрэй уонна Ньукулай диэн оҕолоноллор. Саҥа былаас таҥара дьиэлэрин эһэн, үлэлиир үлэтэ суох буолан, дойдутугар Суоттуга тахсан, сүөһү-ас ииттэн олохсуйбуттара. Барыта наар аанньа, аны бу ааспыт кырыыстаах сэрии туох үчүгэйдээх буолуой? Улахан уол, Миитэрэй сэриигэ баран сураҕа суох
сүтэр. Кыра уол Манчаары Ньукулай Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуоланы бүтэрэн, аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, саллааттара арыгы уоран иһэннэр, ол содулугар уон сыл хаайыыга сытан, биэс сыл көскө сылдьан, ыар олоҕу олорон, эрдэ суох буоллаҕа…
Хаппытыан Бөтүрүөбүс эппитигэр чочумча уу-чуумпу сатыылаата, арай түннүк өстүөкүлэтигэр сахсырҕа сааҕыныыра эрэ иһилиннэ.
– Ойоҕунаан, Кэтириистиин наһаа да иллээхтик олорбуттара, - Алааппыйа дьүөгэтин билигин да истиҥник саныыр. - Күп-күөх харахтаах, сып-сырдык баттахтаах тоҥ нуучча дьахтарын көрөөрү, Байбаллаахха тиэстэрбит. Нуучча кийииппит уу сахалыы саҥаран соһуталаатаҕа үһү. Бэйэтин тылынан тартаран саҥарара минньигэс баҕайытык иһиллэрэ. Кэтириис дьоҥҥо элэккэйэ диэн, сахалыы байбаралаах ырбаахылаах, дагда ытыйа турара бу баар ээ, харахпар. Ыалдьыт да сылдьара, хоноһо да хоноро. Бу барахсанын аны асчыта. Чугас эргин дьахталлар, киниттэн үөрэннэхпит дии, араас бурдук аһы астыырга. Оччолорго бу сылабаар элбэх киһи утаҕын ханнардаҕа, - Алааппыйа, ытамньыйбытын биллэримээри, күлтэҕэр сылабаарга сирэйин кистээтэ.
– Хаппытыан, үөрэхтээх киһи, туох диигин? - Аны кэпсэтиигэ Сылык Дьөгүөр кыттыста.
Дьөгүөргэ Сылык диэн ааты ону-маны билэ-көрө сатыырын иһин иҥэрбиттэрэ. “Кыһыл Сата” холкуос биир туруу үлэһитэ.
– Мин, ити, Байбал эт эттиирин сөҕөрүм, хор, олох сыыһа охсубат этэ ээ.
– Байбалын көрбөт буолан, өйүгэр оҥорон көрөрө күүскэ сайыннаҕа дии. Ол да иһин, киһи сатаабатын сатаан эрдэҕэ, - Хаппытыан Бөтүрүөбүс судургутук быһаарда.
– Оннук быһыылаах. Оту да охсоро дьикти. Бу, хотуурун суола киэҥэ, ырааһа. Мин сөҕөр да этим, - Хотуурдаах Киргиэлэй көлөһүнүн былаатынан соттор.
– Бу биһиги Суоттубут сирэ, өрүс тардыыта буолан эбитэ дуу, буора өҥ. Бурдук, оҕуруот аһа бэйэтэ дьаалатынан үүнэр. Ол да иһин, нууччалар былыр оҕуруот аһын күүскэ үүннэрдэхтэрэ. Инньэ гынан, дөкүмүөҥҥэ “Оҕуруоттаах” диэн суруйаллар эбит. Онон, дьыалабыт барыта Оҕуруоттаах диэнинэн толоруллар, - Сөдүөт, холкуос бэрэссэдээтэлэ буолан ити боппуруоһу эндэппэккэ билэр.
– Хортуоска барахсан үчүгэй буоллаҕа. Кэтириис нууччата тардан буоллаҕа, оҕуруот аһын үүннэрбэхтиир этэ, - “маны сиэн” диэбиттии, Алааппыйа бүтэйдии буспут, сибиэһэй хортуосканы сандалы ортотун диэки аста.
Дьон аһаан бүппүттэрин биллэрэн хончоҕордорун бүлүүһэлэригэр умса уурталаатылар. Аа-дьуо таһырдьа тахсан, сөрүүн, чэбдик салгыны түөстэрин муҥунан тыыннылар.
Күн арҕаалаабыт. Айылҕаҕа туох да уларыйыы буолбатах. Барыта уруккутунан. Чыычаах ыллыыр, ынах маҥырыыр, оҕус айаатыыр.
Арай халдьаайыга, киһи уҥуохтарыгар сабыс саҥа аҕыс кырыылаах, үрдүгэр кыһыл сулустаах баҕана ала-чуо киһи хараҕар быраҕыллардыы кылбайан турда.
Байбал барахсан…

Иннокентий Попов - Оҕуруоттаах

“Күрүлгэн” сурунаал 2018 №3 бэчээттэммитэ

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 178
05.11.2022 11:09

Дьолун сууйбут

(Олоххо буолбут түбэлтэ)

Биир дэриэбинэҕэ биир дьахтар олорбута үһү. Тас көрүҥүнэн наһаа кыраһыабай, ыраастык тутта-хапта сылдьар кыыс оҕото эбит. Күүстээх аҥардар бары сөбүлүү көрөллөрө үһү. Атын дьахталлар кинини ордук санааннар кэнниттэн үөҕэллэр эбит. Утары көрүстэхтэринэ сирэйигэр атын буола түһэллэрэ үһү. Били үөхпүттэрэ ханан да суох буолар эбит.
Бу кыраһыабай дьахтарбыт наһаа сириксэн бэрдэ эбит. Эр дьону атахтарыттан төбөлөрүгэр диэри сыныйан көрөн баран туох эмэ итэҕэстээх диэн син биир сирэрэ үһү. Иннэ гынан эдэр сааһыгар кимиэхэ даҕаны кэргэн тахсыбакка хаалбыт.
Киһи олоҕо түннүгүнэн чыычаах көтөн ааспытын курдук түргэн дииллэр. Бу дьахтарбыт сааһа ырааппыт. Аны төрөппүттэрэ муҥнаахтар биир-биир кырдьаннар анараа дойдуга айаннаабыттар. Ону даҕаны бэрт эрэйи көрөннөр өлөөхтөөбүттэр. Кырдьар кэмнэригэр умса баран түстэхтэринэ сүүһүттэн өйүөхтээх, тиэрэ баран түстэхтэринэ кэтэхтэриттэн тириэхтээх соҕотох кыыстара, сиргэнэн, төрөппүттэрин үчүгэйдик көрбөтөҕө-харайбатаҕа үһү. “Муостаны киртитэҕит хаамымаҥ, иһити эһиги сууйбаккыт аһаамаҥ” диэн төрөппүттэрин муҥнааҕы күн аайы мөҕөр-этэр идэлэммит. Атаахтык иитиллибит соҕотох оҕо буолан итинник куһаҕаннык быһыыланар буолбут. Иннэ гынан кырдьаҕас муҥнаахтар соторунан өбүгэлэрин дойдуларыгар айаннаабыттар.
Ити кэнниттэн дьахтарбыт өссө чэнчис буолбут. Кэтэр таҥаһын күн өрүү-өрүү сууйара үһү. Дьиэтин муостатын күҥҥэ үстэ соторо үһү. Дьиэтигэр кими даҕаны үктэннэрбэт буолбут. “Дьиэбин киртитэҕит” диэн кэлбит ыалдьыттары аан таһыттан үүрэр идэлэммит.
Аҕыйах сылынан бу дьахтарбыт сүһүөх ыарыытыгар ылларбыт. Хаамара-сиимэрэ бытааран, туттара-хаптара аҕыйаан, сотору кэминэн орон-тэллэх киһитэ буолбут.
Дьахтар төһө даҕаны куһаҕан майгылааҕын иһин, чугас аймах-билэ дьоно бүөбэйдээри кэллэхтэринэ “кэлимэҥ-барымаҥ, дьиэбин тэпсимэҥ” диэн син биир оронугар сытан эрэ үүрэн ыытара үһү. Иннэ гынан ким даҕаны киниэхэ кэлбэт-барбат буолбут.
Биир сарсыарда, урут эккирэтэ сатаабыт тырахтарыыс Буокка дьахтар дьиэтин аттынан ааһан истэҕинэ, дьиэ иһигэр дьахтар ытыыр дуу, ыллыыр дуу саҥата иһиллибит. “Бу дьахтар туох буоллаҕай” дии санаат дьиэҕэ көтөн түспүт. Онуоха, доҕоор, дьиэ иһэ киһи кыайан тулуйбат сыта-сымара үһү. Дьахтар муҥнаах убаҕаһын, хойуутун бүтүннүү оронугар ыыппыта, онто сытыйан сыт-сымар мааныта буолбут эбит. Бэйэтэ уҥуох-тирии буолан, хараҕынан бэрт сэниэтэ суохтук көрө сытара үһү. Буокка диэки эргиллээт кыратык мичилийэн ылбыт уонна бэрт сэниэтэ суох куолаһынан олорон ааспыт олоҕун кэпсээбит. Тиһэҕэр “Дьолбун сууйан кэбиһэммит маннык дьүһүн-бодо буоллум. Урут эйигин төбөҕүттэн атаххар диэри кирдээх тырахтарыыскын диэн үөхпүппүн, бука, бырастыы гын” диэн көрдөспүтэ үһү.
Иннэ гынан, аһара ыраас, чэнчис буолар эмиэ кутталлаах соҕус эбит. Чахчы кини дьолун сууйбута буолуо дуо?

Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа сэлиэнньэтэ, 24.01.2021 сыл

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 178
07.11.2022 16:13

Ким билиэ баарай… (КЭПСЭЭН)

90-с сылларга буолбут оскуолатааҕы сылларбыттан быһа тардан кэпсиим. Дьон аатын, кыра бытархайдары уларытан-тэлэритэн биэрдим. Бу манна баар дьоруойум, кини доҕотторо билбэттэрин курдук кыһанным. Хас биирдии киһи олоҕор маннык баара буолуо. Кэпсээмминэн сиэттэрэн чугас дьоммутугар истиҥ-итии сыһыаннаах, болҕомтолоох буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын…

Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар сытыы-хотуу, мэлдьи үөрэ-мичээрдии сылдьар, туйгун үөрэхтээх Надя диэн кыыс баара. Олус чэнчистик туттара, таҥаһа-саба кимтэн да чорбойбот этэ эрээри, бэйэтигэр олус барсара, уолаттар «дьокутаат» диэн дьээбэлииллэрэ. Араас күрэхтэһиини, тэрээһини көтүппэккэ кыттара. Мэлдьи «Надя манна бастаабыт, онно кыайбыт» диэн истэрбит. Доҕотторо таптаан «Мичээр» диэн ааттыыллара. Мэлдьи инники паартаҕа хоруйдаһа, ол-бу дьээбэлээҕи этэн оҕолору, учууталлары күллэрэ олороро бу баарга дылы. Төһө даҕаны бастыҥ буоллар, улаатымсыйбытын, кими эмэ атаҕастаабытын, сэнээбитин, үрдүктүк туттан киэптээбитин өйдөөбөппүн. Бука, ол туһунан санаата да суоҕа буолуо. Уоттаах хара­ҕар олох, сырдык ыра баара. Мин Надялыын чугастык до­ҕор­доспотоҕум эрээри, астына көрөрүм, кини курдук буолуохпун баҕарарым. Бэйэм үчүгэйдик үөрэнэрим, ол эрээри уопсай дьыалаҕа туохха да кыттыбат этим.
Ийэлээхпин эрэ. Быраас буолан, балыыһаттан арахпат. Иккиэйэх эрэ буоламмыт, чуумпуга үөрэнэн хаалбыппын быһыылаах: үөрэҕим бүттэ да дьиэбэр кэлэн аһыыбын, иһит сууйаат, уруокпун ааҕабын. Күнүм онон бүтэр.
Дьиэҕэ үлэбин ааҕар остуолум түннүк аттыгар баара. Ол түннүктэн Надя дьиэтэ дьэндэйэн көстөрө. Санаабар, дэриэбинэҕэ кинилэр дьиэлэрэ – саамай дьоллоох. Сылаас дьиэ, толору көрсүө дьонноох, мэлдьи толору астаах остуоллаах, эгэлгэ кинигэлээх! Надя оскуолаттан ситиһиилэнэн кэлэрин бары үөрэ көрсөллөрүн, кыайыытын-хотуутун кэпсэтэллэрин, сыллыылларын, бары мустан олорон чэйдииллэрин, хаартылыылларын харахпар ойуулаан көрөрүм. «Миэхэ хаһан да оннук буолбат» диэн, үөһэ тыынан ыларым. Ымсыырарым…
Ийэм, үлэтиттэн кэлээт, хоско ааһан хаалар, кыратык сытан ылар, онтон туран ас астыыр. Ол кэннэ эмиэ хоспутунан тарҕаһабыт. Ийэм саҥата-иҥэтэ суох, улахан тыаһы-ууһу сөбүлээбэт этэ. Миэхэ хаһыытаабытын, улаханнык мөхпүтүн өйдөөбөппүн. Сэмэлээри гыннаҕына, халыҥ таастаах ачыкытын нөҥүө тоҥуйдук көрөн кэбиһэрэ.
Биир күн ийэм төлөпүөнүнэн кимниин эрэ этистэ, онтон туруупканы талыр гына бырахта. Саҥарбат, арай кыыһырбыта сирэйигэр биллэр. Эрийбит киһи туох эрэ диэн часкыйара, мөҕүттэрэ, он­нооҕор миэхэ иһиллибитэ. Тугу гыныахпын билбэккэ аттыгар турбутум, кууһуохпун, уоскутуохпун баҕарбытым. Ол эрээри кууспатаҕым, туох буолбутун ыйыппатаҕым. Өр аттыгар тураат, хоспор баран суорҕаммын бүрүнээт, ийэбин аһынан, кистээн ытаабытым. Үлэтиттэн эрийэллэрин, эмиэ туохтара эрэ са­там­матаҕын сэрэйбитим. Кэллиэгэлэрин кытта сатаспат быһыылааҕа. Тыл-тылга киирсибэккэ кэлэрин, хоһугар санаарҕаан сытарын элбэхтик көрөрүм. Туох кыһалҕалааҕын, туохтан сатаспаттарын ыйытыахпын баҕарар этим да, толлон чугаһаабат этим. Ийэбин кытта аһаҕастык кэпсэтиэхпин, күлэ-үөрэ тэҥҥэ ас астаһыахпын, үлэ­ти­гэр барса сылдьыахпын баҕа­рарым. Түннүкпүн манаан оло­рон «биһиэнэ дьон киэнин курдук тоҕо буолбата­ҕый?» диэн санааргыырым. Чуҥкуйан, оскуолаҕа барарбын кэтэһэрим. Эмиэ Надяны көрүөм дии. Кинини көрөн, сырдыгы ыраланарым, үөрэх­пэр кыһалларым.
Сынньалаҥ чуораанчыга тыҥкынаабытыгар оҕолор тута көрүдүөргэ сүүрбµттэрэ. Мин кылааска хаалан уруһуйдуу олорбутум. Надя эмиэ хаалбыта. Литэрэтиирэ кинигэтин хостоот, ааҕан киирэн барбыта. Ол кэннэ чочумча буолаат, мин диэки хайыспыта:
– Дьиэҕэ үлэҕин оҥорбу­туҥ дуо? Мин бириэмэм тиийбэккэ, оҥорбокко хаалбытым… Миэхэ, баһаалыста, уһул­тарыаҥ дуо? – диэн көрдөспүттүү көрбүтэ. Надя курдук туйгун, актыбыыс кыыс миигиттэн көрдөспүтүттэн со­һу­йан, тэтэрээппин сонно ууммуппун бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Кыыһым махтанаат, устан ылбыта.
– Махтал, Светик, аныгыскыга туох эмэ буоллаҕына, көмөлөһүөҕүм, – диэн истиҥник мичээрдээт, көрүдүөргэ оҕолоругар сүүрэн хаалбыта.
Ол түүн арай төлөпүөммүт тырылаата. Ийэм түргэн үлү­гэрдик уотун холбоот, туруупканы ылла:
– Оо… сөп. Билигин тиийиэм, – диэт, таҥнан барда.
– Ханна бардыҥ? Кимий?
– Ээ, Надялаахха туох эрэ буолбут. Утуй. Кэлиэҕим сотору, – диэт, тахсан барбыта.
Надялаахха? Туох буолла­ҕай… Түннүкпүнэн кини дьиэтин көрөбүн. Таһырдьа ыас хараҥа, арай Надялаах дьиэлэрин түннүктэрин уота бүүс-бүтүннүү сандааран олорор. Ол түүн ончу утуйбакка оскуолабар тиийбитим. Надям көстүбэт. Кылааспыт салайааччыта:
– Надя ыалдьыбыт. Балыы­һаҕа киирбит. Ол иһин бакаа үөрэммэт, – диэн быһаарда.
Оҕолор сибигинэһэн киирэн бардылар. Надя паартата кураанах турарын киһи атыҥырыы көрүөх үлүгэрэ, кылаас чуҥкуйбукка дылы. Аттыбар олорор кыыһым миэхэ сурук суруйан биэрдэ уонна «салгыы ыытан ис» диэтэ. «Надя бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт үһү. Балыыһаҕа бара сылдьыбаппыт дуо?» диэн ыар ис хоһоонноох суругу итэ­ҕэйбэккэ, хос-хос аахтым. Ити сурукпутун учуутал тутан ылан, бары мөҕүлүннүбүт. «Доҕоргут, баар-суох бас­тыҥ кыыспыт туһунан араас сураҕы ыытымаҥ, харыстыа да эбиккит. Балыыһаҕа барымаҥ!» – диэн уруок кэннэ кылааспыт салайааччыта отут мүнүүтэлээх «лиэксийэ» аахпыта.
Дьиэбэр тиийбитим, ийэм остуолун тардан, номнуо кэ­тэһэн олорор. Ийэбиттэн бэ­ҕэһээ түүн туох буолбутун туо­һуласпыппар:
– Чэ, ону кэпсэтимиэх, аһаа, – диэтэ. Онон кэпсээм­мит бүттэ. Надялаах кэлин дэриэбинэттэн көһөн барбыт сурахтарын эрэ истэн хаалбыппыт.
Дьыл-хонук ааспыта. Кэргэннэнэн, оҕолонон, дьиэ арыандалаһан куоракка олоробут. Биирдэ оҕо саадыгар баран истэхпинэ, арай утары Надя иһэр! Соһуйдум да, үөрдүм даҕаны. «Кэпсэтэрэ дуу, миигин билэрэ дуу?» диэн мух-мах буолан истэхпинэ, хата, бэйэтэ уруккутун курдук истиҥник, арылхайдык мичээрдээтэ:
– Хайа, Светик! Төрүт уларыйбатаххын. Чэ, мин ыксаатым, – диэт, ааһан хаалла. Испэр «Этэҥҥэ эбит. Эмиэ мичээрдээн, үөрэ-көтө сылдьаахтыыр». Оскуолатааҕы бы­һы­лааны санаан, үөһэ тыынан ыллым. Кылааһынан көрсүһэр­битигэр кыыспытын ыҥыра сатыырбыт да, биирдэ эмэ кэлбитин өйдөөбөппүн.
Сайыҥҥы сынньалаҥҥа ийэбитигэр таҕыстыбыт. Ийэм соҕотохсуйар, кэлбиппитигэр олус үөрдэ, сиэннэриттэн арахсыбат, санаабар, олус уларыйбыт курдук. Ас эгэлгэтин астаан сандалытын тарта. Киэһэриитэ ийэбиниин чэй иһэ-иһэ, хаһан да кэпсэппэтэхпитин кэпсэттибит. Надяны өйдөөн кэлэн, ол кэмҥэ туох буолбутун ыйыттым.
Ийэм ол түүн ыҥырбытта­рыгар Надялаах дьиэлэригэр тиийбит. Аҕата умса түһэн олорор, остуолга арыгы бытыылката кэчигирэспит. Ийэлэрэ холуочук, дьыбааҥҥа ытыы олорор үһү. Дьиэлэрэ тымныы, кибис-кирдээх, ыһыл­лаҕас, сууйуллубатаҕа ырааппыт. Надя хоһугар ороҥҥо кубарыйан сытарын көрөн, ийэм уйадыйан ылбыт. Хоһо барыта кинигэ, арааһа, уруогун ааҕа олорбут. Эмп-томп бөҕөтүн иһэн, дьиэтин ойоҕоһугар өйө-суох сытарын ыала Марыына булан аймаммыт. Кырдьыга, маннык эбит: ийэлээх аҕата киэһэ ахсын арыгы иһэллэр, түүнү быһа ардыгар ытыы-ытыы, сороҕор күлэ-күлэ кэпсэтэллэр, оҕоло­рун сүгүн да утуппат эбиттэр. Кыыстара ол иһин уруогун аахпыта буолаат, мэлдьи оскуолаҕа сылдьар. Биир да ситиһиитин да билбэттэр, наадыйбаттар эбит. Ол иһин Надя кэпсээбэт даҕаны, үөрүүтүн үллэстибэт да эбит. Үөрүүтэ барыта оскуолаҕа хаалар: учууталлара хайгыыллар, доҕот­торо эҕэрдэлииллэр. Ол курдук, хас да сыл дьиҥнээх кыһалҕатын кимиэхэ да көр­дөр­бөккө, сүрэҕэр баар кутур­ҕанын, ыар сүгэһэрин кыратык да биллэрбэккэ нарын, истиҥ мичээригэр саһыаран сылдьыбыт. Ыаллара Марыына кэпсээбитинэн, Надя дьоно арыгы иһэллэрин тулуйбакка, түүн дьиэтин таһыгар тахсан олорон ытыыр, баанньыкка хонор эҥин эбит. Марыына хаста да Надяттан туох буолбутун ыйытарын «ээ, суох, уруогум элбэх, сатаан кыаммакка ытыыбын, дьоммор этимээр» диэн сымыйалыыр эбит. Чугас дьүөгэтиттэн туо­һу­ласпыттарын «миэхэ кэлэн наар ытааччы, олоҕум ыарахан диэн кэпсээччи диэбит. «Дьиэбиттэн барыахпын баҕарабын эрээри, дьоммун таптыыбын, кинилэр иһэллэрин-аһыылларын атын дьон билиэ диэн кыбыстабын. Арааһа, мин буруйдаахпын быһыылаах… Олоруохпун баҕарбаппын», – диэн, хаста да ытыы-ытыы сүбэлэттэрэ кэлэ сылдьыбыт эбит. Дэриэ­бинэҕэ мэлдьи итинник: ким да түмсүүтэ суох, кыһалҕа буоллаҕына ким да өйөөбөт, аһаҕастык кэпсэппэт, сурах эрэ тарҕанар…
Быһылаан кэнниттэн дьонун төрөппүт буолар быраабыттан быспатахтар. Эмтэнэн баран атын нэһилиэккэ көспүттэр. Син биир кыралаан иһэллэр диэн сурах баара. Надя билигин куоракка олорор, үлэлиир. Тус олоҕо хайдаҕа буолла?.. Ити курдук нарын, истиҥ мичээр иһигэр ыар баттыгы саһыара сылдьыбытын киһи итэҕэйбэт. Онтон мин түннүгүнэн кини олоҕун ойуулаан көрөрүм, ымсыырарым. «Киһи олоҕун таһыттан көрөн сыаналаабат буол» диэн ону этэн эрдэхтэрэ. Сарсыарда тураат, бары мааска кэтэбит, бэйэбит дьиҥ сирэйбитин кистиибит. Арааһа, арыый аһаҕас, көрсүө буоларга үөрэниэххэ наада быһыылаах. Ким билиэ баарай дьону туох кыһалҕа үүйэ-хаайа тутарын, этиллибэтэх ханнык тыллар муҥнуулларын…

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 178
07.11.2022 19:42

“Дьахтар кыламмыт” сиһигэр

(Дьиҥ олохтон)

Бу кэпсиир түбэлтэм ааспыт үйэ 60 с сылларыгар буолбута.
Эдэр сылдьан, бииргэ бултаабыт- балыктаабыт киһим- Сэргэй кэпсээбитин туох да уларытыыта суох ааҕааччыларбар тиэрдиим.
Оччолорго Сэргэй саҥардыы кэргэннэнэн, оҕолонон сылдьар, эдэр киһи эбитэ.
Биир күһүн, соҕотоҕун, тайахтыы диэн, Дьиикимдэ Арҕаа үрэҕинэн барыллар, Дьахтар кыламмыт диэн дьулаан ааттаах, абааһылаах диир түбэлэригэр барарга быһаарыммыт.
Онно, былыргы булчут үүтээнэ баарыгар тиийиэхтээҕэ.
Балаҕан ыйын уонна алтынньы ыпсыһыылара буолан бастакы хаһыҥнар түспүт кэмнэрэ этэ.
Сэргэй өрүү даҕаны ыта суох бултуура.
Кини сыты билэр оһуобай дьоҕурдааҕа.
Тайах сытын ыллаҕына, суолун булан, күнү күннээн батыһан бултуура.
Биирдэ кинилиин сир харатыгар тайахтыы Арҕаа үрэххэ сылдьыбыттаахпыт.
От үрэх салаатын батан иһэн киһим: “Оо, атыыр тайах сыта баар, бу соторутааҕыта ааспыттар”- диэн баран суол-иис көрдөөтө.
Мин кинини үтүктэн, ол-бу диэки сытырҕаан көрөбүн да, туох да сыта баара биллибэт.
Киһим ыҥырбытыгар тиийбитим, бу иннибитигэр аҕай, икки тайах суола муоҕу, дулҕаны быһыта үктээн субу ааспыттар. Саахтара буруолуу сытара. Биирдэрин суола сүрдээх улахан, иккиһин киэнэ орто соҕуһа.
Оччону көрбүт дьон, суолларын устун түһүнэн кэбистибит.
Балачча суоллаан баран, биир арыы ойууру икки өттүнэн бардыбыт. Өр-өтөр буолбата, киһим карабинын тыаһа икки төгүл тиҥийдэ.
Сүүрэн тиийбитим, киһим: “Дьэ кыһыы, миигин билэннэр, ыраахтан, үөттэр быыстарынан куотан истэхтэринэ ытыалаан, сыыһан кэбистим. Талах тарта быһыылаах. Хаан иҥин таммалаабыта көстүбэт”- дии тоһуйбута.
Тыал хоту киирэн, сытын ылбыттара быһыылааҕа.
Дьэ итинник киһи, Дьахтар кыламмыт диэн сиргэ түҥкүр-таҥкыр түһэн чугаһаан испитэ.
Ону-маны санаан, тула өттүн манана, бэйэтэ да дух-дах тутта истэҕинэ, арай доҕоор, олох чугас, ойоҕоһугар, сүр хатаннык дьахтар кылана түстэ!
Сэргэй кутталыттан куйахатын тириитэ үмүрүтэ тарта, баттаҕа туран хаалла!

Сэргэй ону-маны санаан, тула өттүн манана, бэйэтэ да дух-дах тутта истэҕинэ, арай доҕоор, эмискэ ойоҕоһугар, бэрт чугас, сүр хатаннык дьахтар кылана түстэ!
Сэргэй куйахатын тириитэ сүр күүскэ үмүрүтэ тарта, баттаҕа туран хаалла!
Саатын хаба тардан ылаат, талах төрдүттэн ойон туран, хаһыытыы-хаһыытыы куотан боругулдьуйан эрэр дьахтары, абааһы дии санаат, көхсүн хараҕын кыҥаан, элбэрээгин тардан эрдэҕинэ, иккис дьахтар олох атаҕын анныттан ойон туран, часкыйа-часкыйа куотта.
Онно эрэ өйдөөтө- Арҕаа Үрэх диэки отоннуу тахсан баран, икки нуучча дьахтара мунан хаалбыттарын көрдөөбүттэрэ уонтан тахса хоммутун.
Сэргэй : “Тохтооҥ, Стойте! “- дии-дии сырсан сабыкыччыйда да, дьахталлара ситтэриэ суох курдуктар, хараҥа ойуур быыһынан сүүрэн элэгэлдьиһэллэрэ түргэнэ сүр.
Ситтэриэ суохтарын билэн, хаһыытыы-хаһыытыы үрдүлэринэн ытыалаан субурутта.
Онуоха эрэ, дьахталлара умса баран түстүлэр.
Сүүрэн тиийбитэ, таҥастара бүтүннүү тырыттыбыт, баттахтара бураллыбыт, сото, атах сыгынньах нуучча дьахталлара бөтүөхтэһэ сыталлар эбит.
Атахтара хаан оҕуолуу сылдьар, тырыттыбыт таҥастарын быыһынан үп-үрүҥ түөстэрэ быгыалыыллар. Харахтара иирбит киһи курдук сүүрэккэлэстэр.
Туран куота сатаабыттарын эмиэ хаһыытаан тохтотолоото.
Икки нэдиэлэттэн ордук мунаннар, отой өйдөрүттэн тахсан хаалбыттар.
Хамаанда бөҕөннөн, сааннан хомбуойдаан, ыллык устун үүтээн диэки үтэйэн истэ. Ол былаһын тухары дьахталлара, быыс буллулар эрэ куота сатыыр мөккүөнэ.
Үүтээҥҥэ киллэртээтэ. Чүөчэлэрэ икки аҥыы хараҥа муннуктан харахтара кылабачыһа олордулар.
Нууччалыы уоскуйуҥ, киһибин, эһигини дьиэҕитигэр тиэрдитэлиэм диир үһү да, дьахталлара өйдөөбөтөхтүү көрөн бөтүөхтэһэ олорбуттар.
Тахсан куотуохтара диэн, саатын кууһан баран, ааны бүөлүү балай эмэ олорбут.
Арыый уоскуйбуттарын кэннэ, тиэрмэстээх чэйиттэн биир-биир кутан биэртэлээбит, арыылаах килиэбиттэн бэрсибит.
Аччыктаан, хоргуйан уҥуох-тирии буолбут чүөчэлэр килиэп үрдүгэр иҥсэлээхтик түспүттэр.
Алыс аччыктаабыт дьон эмискэ элбэхтик аһаатахтарына, оһоҕосторо бааллар үһү диэни ханна эрэ истибитин өйдөөн, Сэргэй аһыттан кыра-кыратык бэристэ.
Үссэнэн, арыый өй киирэн, чүөчэлэрэ ытаан сыҥырҕаһан барбыттар.
Эргэ суорҕан баарын биирдэригэр биэрбитин эринэн кэбиспит. Иккиһигэр бэйэтин сонун устан, санныгар иилбит.
Ол кэннэ, чүмэчи уматтан, бэлэмнэниллибит мас баарынан оһоҕун отунна.
Тимир оһох барахсан, дьон кэллэ диэн үөрэ-көтө таһырҕыы умайан, кыракый үүтээни түргэн үлүгэрдик сылытта. Тардыылаах тимир оһох тыаһа, дьахталлар ытаан сыҥырҕаһыылара үүтээн иһин толордо.

Тимир оһох барахсан дьон кэлбитигэр үөрэн, күлүбүрүү умайда.
Тардыылаах тимир оһох тыаһа, дьахталлар ытаан сыҥырҕаһыылара үүтээн иһин толордо.
Сэргэй ону-маны ыйытар да, чүөчэлэрэ син биир, тугу да өйдөөбөт курдук мэндээриччи көрөллөр.
Сиэрдийэ мастартан оҥоһуллубут наара орон баарыгар, сытан сынньаныҥ диирин туура өйдөөбөттөр.
Хайдах олорбуттарай да, ол курдук, муннуктарыгар олорон хоммуттара. Сэргэй, аны тахсан куотан хаалыахтара диэн, саатын кууспутунан, аанын боруогар олорбутунан хоммута.
Кыратык нуктаан эрэ ылбыта.
Сарсыарда халлаан саҥа суһуктуйуута оһоҕор мас эппитэ.
Чүөчэлэригэр өйүөтүттэн бэрсибитэ, үс-түөрт хоно кэлбит киһи син астааҕа.
Сылаас дьиэҕэ хононнор, итии киллэринэн, чүөчэлэр барахсаттар син бэттэх кэлбиттэр.
Аһаабыттарын кэннэ, атахтарын өрбөҕүнэн эрийбит.
Куотуохтара диэн, иккиэннэрин илии-илиилэриттэн баайан, иннигэр уктан, бэҕэһээ кэлбит ыллыктарынан дэриэбинэ диэки барбыттар.
Бу сырыыга баҕас, дьахталлара, тугу этэрин тук курдук толорор буолбуттар.
“Вперёд!"-диэбитигэр, иннилэрин хоту сукуһан испиттэр.
Ол иһэн, Арҕаа Үрэххэ тиийиилэригэр, бэрт намыһаҕынан вертолёт көтөн ааспыт.
Оччолорго Ньурба авиапорда сайдан бөҕө турара, вертолетнай площадкатыгар хас эмэ уонунан ааҕыллар араас вертолёттар бааллар.
Уонтан ыраах тахса, саамай улахан Ми-6 вертолёттар бааллара.
Кыралары ааҕа да барбаккын.
Алмаас промышленнаһа атаҕар туран эрэр кэмэ буолан, Амакинскай экспедицияны хааччыйаары, күнүн аайы араас грузтаах вертолёттар көтөллөрө.
Баараҕай Ми-6 бэртилиэттэр бульдозер трактордары, араас улахан цистерналары, суон турбалары троһунан иилинэн ааһалларын күн ахсын көрөрбүт.
Бу сүппүт чүөчэлэри көрдөөн вертолеттар күҥҥэ хастыыта эмит көтөллөрө.
Ити курдук хааман салбырдаһан иһэн, Сэргэйдээх, көрдөөччү биригээдэни утары көрсө түһэллэр.
Рацияннан кэпсэтэ охсон, көрдөөһүҥҥэ сылдьыһар экспедиция танкеткатын ыҥыран ыланнар, чүөчэлэри көтөҕөн олордуталаат, Ньурба диэки ыстаннараллар.
Дьэ, ити курдук, отоннуу тахсан баран, уонтан тахса хонук муммут дьахталлары көрдөөһүн ситиһиилээхтик, үөрүүлээхтик түмүктэммитэ.
Тоҕо диэтэххэ дьон үксэ, саатар өлүктэрэ көстөрө буоллар дии саныыр, кэпсэтэр да кэмнэрэ саҕаланан эрэрэ.
Чүөчэлэртэн биирдэстэрэ Ньурба авиапордун солбуйааччы начальнигын кэргэнэ, иккистэрэ авиапорт остолобуойун сэбиэдиссэйэ эбиттэр.
Дьэ итинтэн ылата, Сэргэйбит олоҕор, үчүгэй өттүгэр улахан уларыйыылар үүммүттэрэ.
Оччолорго “Сельхозтехникаҕа” механиктыы сылдьар эдэр киһини авиапорт начаалынньыга ыҥыртаран ылан, улахан махталын биллэрбитэ.
Туох үлэлээҕин, олоҕун-дьаһаҕын, төһө хамнастааҕын, туох дьиэҕэ-уокка олороллорун ыйыталаспыта.
Онтон, биһиэхэ үлэҕэ киир, вертолет механигын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиэҥ, онтон үөрэнэн механик буолуоҥ диэн, толуу көрүҥнээх нуучча киһитэ аккаастаппат курдук, муос-таас эппитэ.
Киһибит вертолёту ыраахтан эрэ көрөбүн, сатыам суоҕа диэбитин, саҥарда да барбатаҕа.
Эдэр киһигин, үөрэниэҕиҥ, хамнаһыҥ билиҥҥи үлэҕинээҕэр үс төгүл үрдүк буолуоҕа. Остолобуойга босхо аһыаҕыҥ диэн ылыннарыылаахтык эппитэ.
Оччолорго, соҕурууттан кэлбит, үөрэхтээх, саалайааччы нуучча дьоно барахсаттар махтанары да сатыыллара.
Ити күнтэн аҕыйах хонон баран Сэргэй, Ми-8 квертолёту көрөр-истэр механикка сыһыарыллан, үлэлээн барбыта.
Техникаҕа сыстаҕас уол, мындыр өйүнэн бу үлэни баһылаан барбыта. Эбии курстары баран, үһүс сылыгар механик дуоһунаһыгар таһаарбыттара.
Хас бырааһынньык аайы остолобуой сэбиэдиссэйэ, Сэргэйдээххэ, ас арааһын кэһии уунара.
Эһиилигэр кэҥэс соҕус уопсай дьиэҕэ көспүттэрэ. Урут дьоннорун кытта бэрт кыараҕас дьиэҕэ олорбуттара.
Үһүс оҕолоро төрөөбүтэ.
Ити курдук, Сэргэй үлэһитэ, мындыра, толоругаһа бэрт буолан, ытыс үрдүгэр сылдьыбыта, элбэх хайҕал грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Бэйэтэ даҕаны өрүү этээччи: “Киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диэн.
Онно-“Саха сатаабатаҕа суох” диэни эбэн кэбиһиэххэ.

Абаҕаа.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 178
18.11.2022 18:40

Быыһаныы

Сабырык

Олоххо буолбут түбэлтэ.
Бу быһылаан ыраах 1965 с күһүн балаҕан ыйын 17 күнүгэр биһиги Бүтэйдээхпит нэһилиэгэр буолбута.Мин атастарбынаан Куоста Родионовтыын,Опуллуон Барыыһаптыын, Бааска Захаровтвыын- Бачыылыын,Ылдьаа Аргуновтуун-Күөх сайынныын икки Урал матассыыкылынан муҥхалыы бардыбыт. Уолум Ыстапаан сайыспытын илдьэ бардым.
Балыктыахтаах сирбит Тэлээйи балачча ыраах,ардах кэннэ буолан суола-ииһэ мөлтөх. Эбиитин эбиэттэн киэһээ биирдэ айаннаатыбыт. Бырыылаахха тиийиибитигэр күммүт балачча киэһэрдэ. Арҕааттан үрэр күүстээх баҕайы балаһа тыаллаах. Сынньана тохтоон баран, уопсай сүбэнэн сарсыарда сырдыкка,тыал сэллээбитин кэннэ муҥхалыахпыт диэн дьиэлээх сиргэ хоно хааллыбыт. Өйүөбүтүн үссэнэн отчуттар үүтээннэригэр бэлэм таҥаска сытан күө-дьаа хоннубут. Сарсыарда эрдэ туран мантан икки биэрэстэлээх Эбэбитигэр начаас тиийдибит. Тыалбыт астыбатах,санаабытыгар өссө сэтэрээбит курдук. Муҥха ыйаабыт тумулугар тохтоон,хоой сир булан муҥхабытын абырахтаатыбыт.
Арай арҕаа диэкиттэн одинарка матасыыкынан убайдыы-быраат Уйбаан,Килимиэн Гоголевтар мэҥэстэн кэллилэр.Ыксаабыттара сүр, тыын быһаҕаһынан дьон ууга түспүттэрин тыллаатылар. Кинилэри батыһан тиийбиппит- икки киһи кытылтан тэйиччи харбаан булумахтаналлар. Биирдэһэ куула диэки харбыыр,иккиһэ долгун утары Үөннээххэ,биһи диэки кэлэ сатыыр.Долгун олох өрө оргуйан олорор. Бостуук уолаттар быһыылаах дэстибит. Тыыбытын үрдэрэ охсон,эккирэтэр санаалаах киириэх буолбуппут-эрдиибит мэлигир.Муҥхабытын бэрийбит сирбитигэр хаалан хаалбыт.УолбунЫстапааны ыллара ыытан баран,кэтэһэ барбакка эрэ,чугастааҕы от күрүөтүттэн сиэрдийэ тоҕо тардан ылан эрдии оҥоһуннубут.Мучумаан быыһыгар тоһоҕолоох маһынан тыыбытын тэһэн кэбистибит. Хос үрдэрэн, хайаҕаһы тарбаҕынан саба баттаан Бачыылаах,Ылдьаа иккиэн киирдилэр. Санаабытыгар эрдиилэрэ мөлтөх буолан сүүрбэччэ миэтирэ кэтиттээх харба окко өр баҕайы буоллулар.Хата,бэтэрээ хара бэргэһэлээҕэ Сысыыгын Оппуонньа андыга аспыт мончуугун атаҕыттан тутуспут. Биһиги дьоммут онно чугаһаан баран:“Атыттар эбит. Нууччалар. Бу киһи тулуһан эрииһик,"-диэн хаһыытастылар. Бачыыта бардам,холуон соҕустук саҥарбыта кэлин бэйэтигэр кэлиэҕин ол сахха хантан билиэй? “Кэтэс, кэлиэхпит”-диэн баран,ыраах сылдьааччыга аастылар. Куулаҕа харбааччы олох тимирэ-тимирэ күөрэйэр. Тиийиилэригэр букатын сүтэн хаалла. Көрдүү сырыттахтарына илиитэ күөрэйбитигэр,хата бэгэччэҕиттэн харбаан тыыларыгар соһон ыллылар.“Эмиэ нуучча”-, диэн биһиэхэ хаһыытаатылар.Төттөрү устан,бэтэрээ киһилэригэр кэллилэр. Түөрт киһини уйуо суоҕа диэн,киһилэрин кэпсэтэн,тыы тумсуттан тутуһуннаран баран уһуннулар. Харбаҕа кэлэн хамнаабат кына иннэн хааллылар. Биһиги биэрэккэ турааччылар,ууну кэһэн утары киирдибит.Дириҥэр тиийэн 5 миэтэрэлээх сиргэ быабытын быраҕан биэрэн,нэһиилэ соһон таһаардыбыт. Быыһаабыт дьон сиэринэн дьэ “һуу” диэн, дьоммутун хачайдыыр, илбийэр,ириэрэр аакка бардыбыт. Сорохтор уот отто охсон таҥас куурдаллар. Биирдэрэ бааһынай, биирдэрэ нуучча эбиттэр. Ханнык эмэ саҥараллар. Бааһынайа таҥаһа халыҥа сүрдээх буолан,харбыырыгар мэһэйдэппит.Саппыкытын,хата туура тэппит. Буорайбыта,өлө сыыспыта, эдэр нуучча уола хара спортивнай таҥастаах. Хойут син өйдөннө эрээри ирэн биэрбэккэ дэлби титириир. Кэпсээннэриттэн биллэххэ 5 буолан куораттан өрөбүллэригэр бултуу,балыктыы тахсыбыттар. Сирдьиттэрэ биһи дойду киһитэ Слепцов ВалентинФиларетович эбит. Атыттара атын алааска кус вта барбыттара дииллэр да,тыастара тыаҕа иһиллэр.Куобахха хаамаллар курдук. Массыыналара турар сирдэрин ыйаннар,испиир аҕалан,чэй өрөн иһэттибит.Хаалдьаайы диэкиттэн табаарыстара тахсан,туох эрэ буолбутун сэрэйэн сырсан кэллилэр. Туох буолбутун тоокколоһуу бөҕөлөр. Дьоммут сүһүөхтэригэр туран, бары да сэргэхсийдибит.
Бырыылаахха бараммыт уопсай аһаатыбыт.Куорат дьоно өйүөлэрэ дэлэй. Сэһэн-сэппэн элбээтэ,уос өһүлүннэ. Биэкэнэ бөһүөлэгиттэн кэлэн Өлөксөй Гоголев илимниир хаһыы тыытынан киирбиттэр. Икки киһини уйбакка,муоҕун быыьынан уу киирэн тимирбиттэр.“Дьолбутугар эһиги түбэһэ кэлэҥҥит быыһаатыгыт. Мин Николаев Михаил Ефимович диэммин,горкомол бастакы сэкирэтээрэбин,- диэн быыһаабыт киһибит махтанар.Салгыы дьонун билиһиннэрбитигэр улахан дьону быыһаабыппытын дьэ өйдөөтүбүт.Обкомол бастакы сэкиритээрэ Евдокимов,партия обкомун пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйэ,биир дойдулаахпыт ВФ Слепцов бааллар. Адьаһын өлө сыыспыттар.28 саастаах нуучча уола суоппардара эбит.” Тыыммытын өрүһүйбүт дьон билсээрин,туһалыы сатыахпыт,-диэтилэр махталларын быыһыгар.
Кэлин ЕвдокимовСовмин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ,генерал буолбута. Оттон саха дьолугар төрөөбүт ,бастакы Президеммытын МЕНиколаеаы биһиги быыһаабыт эбиппит.Кэлин киһи бэрдэ Ылдьаабыт билсэн,тыраахтыр бэлэх ылан сүүрдүбүтэ. Атыттар суох куттанан кэпсээбэппит даҕаны.Кудаҥхаҕа уопсай муҥхалаан,үс куул үчүгэй собону үллэстэн,үөрэ-көтө тарҕаспыппыт диэн 80 саастаах ыалым Стручков Степан Софронович анаан кэпсээн турар.
Мэҥэ-Хаҥалас суруйааччылара уонна ааптардара кинигэттэн.

Дьокуускай, 2017 с

Добавить комментарий