Кэпсээ
Войти Регистрация

Уута аҕал эрэ тоойуум

Главная / Кэпсээннэр / Уута аҕал эрэ тоойуум

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 167
07.11.2022 16:03

Бу орто аан ийэ дойдум олоҕун ,эҥин эгэлгэ иирбэ таарба түгэнин киһи сатаан сиппэт. Киһи муҥнаах бу бэриллибит, түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарыныы олоҕор сорох уу нуһараҥнык,сорох сор суолланан,сорох дьол доҕуһуолланан, сорох оҥорбут айыытын бүтэн иһэн санаан харах уулаах анараа дойдуга аттанаахтыыр буоллаҕа. Оо киһи эрэйдээх кырдьан мөлтөөн истэҕин аайы ааспыт олоҕун эргитэ саныыр буолар ээ. Бу Сөдүөт оҕонньор билигин аны сааһыран ханна да барбат кэлбэт буолан олордоҕо. Күннээҕи дьарыга арай тиэргэнин күрдьэр,үктэлин харбыыр. Билигин аны үйэ сайдан сылаас дьиэҕэ олорор. Ититии киирэн аны оһох да оттубат,эгэ уу баһыа дуу бэлэми кыраантан сүүрдэн ылар. Бу эгэ кыанар эрдэҕинэ туттубут дьиэтэ,икки уол оҕолордооҕо инньэ ыраах куорат дьоно. Кэлэ да сылдьыбаттар, аҕалаахпын диэн арай кыра уол биирдэ эбит төлөппүөннүүр,ол бу кыра кэһии кэлэринэн барарынан ыытар ээ. Син тамайан эрдэҕэ. Улахан уол хаһан оскуоланы бүтэрэн барбыта да ол айыыта. Бастаан син сурук эҥин хам хаадьаа ыытар этэ. “Ойохтоннум аҕаа”- диэн суруга кэлбитэ уонна суох. Кыра уол сатана ойохтоно илик. Баҕар олоҕун оҥостуо эрдэ буолуо. Били этэргэ дылы “эһэкээн биэриэ эрдэ дуу”- дии саныыр ээ Сөдүөт. Тэһийбэккэ, чуҥкуйан оттуллубакка тымныйбыт оһоҕун иннигэр олорон чааскытыгар итии чай иһэн сүлэтэ сүрүлэтэ табааҕын тардан бусхатар. Аны урукку курдук бөлөмүөр,сиэбэр суох сыаналаах сигэриэт эрэ тардар. Онтун бастаан астыммакка эрэйдэнэн баран син үөрэнэн аралдьыйара табааҕа буоллаҕа. Ээ эмээхсин былырыын бараахтаабыта,ээ чэ эмээхсинэ киһи быһыытынан көнө үчүгэй дьахтар буолбатах этэ. Көҥөһө,күтүрэ, тойомсуга диэн киһитэ мин буолан син тулуйан бииргэ олорор кэллэҕим. Эмиэ да үчүгэйдээх ээ,мээнэ баары ыһа тоҕо сылдьыбата, туһугар эмиэ сөп курдук. Бултка дьэ мин ирээппин тииһиммэлээбит буолуохтаахпын, кыра куобах,кус булдугар күһүн саас сиэлээччибин. Чугастааҕы ыалларбыныын ой бото күөстэнэр этибит. Эмээхсин ыһыы буолан син тэк курдук сылдьан үс күн сытан баран бараахтаабыта. Улаханнык хараттарбатаҕа. Хата мин эмиэ киһилии ыыр дьаар буолбакка аттанарым буоллар бэрт этэ. Бээ,бээ кыра уол ийэтигэр эгэ кэлэн барбыта ээ. Тыына быстыан иннинэ көрсүбүтэ, көрсүбүтэ да буолаахтаан,кэлэн да ийэтигэр чугаһаабатаҕа. Ийэтэ өлүөн иннинэ “тоойуум уута аҕал эрэ”- диэбитин “оо дьээ,субу субу уу дии сытыма”- диэбитигэр Сөдүөт сүрэҕэ эмискэ бүллүргээн охто сыспыта. Олоппоһугар чуут олороот “нохоо,ийэҕэр уута иһэрдиий”- диэн нэһиилэ соруйбута. Уола онно кыыһыран куруускаҕа сойбут ууну илдьэн ийэтигэр “мэ,иһиий дьэ уугун”- диэн куолаһын соноппутун истэн “бу уол ийэҕэр тугуҥ тоҥуйар,сүгүн буол,бар мантан”- диэн хоско киирбитэ эмээхсинэ уонна “уу”- диэбэттии туттан уһун уутугар утуйбут этэ. Оо Сөдүөткэ төһөлөөх ыар охсуу этэй,бииргэ кырдьыбытын кытта үйэ саас арахсыы. Өлбүт эмээхсинин иннигэр өөр төбөтүн хоҥкутан соҥуоран олордо. Ол олорон ийэтин санаан кэллэ ээ,оо ийэтэ эрэйдээх өр ыалдьан сыппыта, эмиэ бу эмээхсинин курдук өлүөн иннинэ “тоойуум уута аҕал эрэ”- диэбитин бу уолум курдук “субу,субу уу диигин”- дии дии куруускалаах тымныы ууну ийэм айаҕар иҥнэрэн “мээ,ис ууну”- дии турдаҕына ийэм эрэйдээх сүрэҕэ тэппэт буолбута. Оо айыым таҥарам мин ыар буруйбун бука диэн бырастыы кын. “Тоойуум уута аҕал эрээ”- эмээхсиним бүтэһик баҕата,мин ийэм эмиэ бүтэһик баҕата туолбатаҕар мин,соҕотох мин буруйдаахпын. “Ийэм муҥнаах “-диэн Сөдүөт хоһугар киирэн оронугар токуллан сытан ааспыт олоҕун эргитэ саныы сытта. Оо ол санаатыттан сүрэҕэ сэлибирээн, нүөлүйэн ылар ээ. Ийэм барахсаны эрэйдээбит, накаастаабыт даа эбиппин ээ. Хайдах этээй мин ол саҕана эдэр оту маһы тардан көрө сылдьа уол оҕото этим ээ. Ийэбэр соҕотох оҕо буолан атаахтатан, ньырамсытан ииппитэ ийэм. Туох үчүгэй барыта оҕобор Сөдүөппэр диирэ. Таҥас мааныта,сон үтүөтэ дэриэбинэҕэ оҕолортон миэхэ эрэ тайах тыһа унтуулаах этим. Дьэ ийэм булааччы. Ас минньигэһэ, кыһыннары быырпах, сарсыарда аайы барыанньалаах дагда. Туох суох этэй мин ийэбэр. Барыта баар этэ. Аармыйаттан кэлбитим ийэм улаханнык кырдьан,мөлтөөбүт этэ. “Оо оҕом кэллэ,оҕом харайыа, оҕом бүөбэйдиэ”- диэн үөрэн бөҕө буолаахтаабыта. Ону баара мин киһи ийэбин кыайан харайбатах ыар айыылаахпын ээ. Оо сор,сор ол айыыбар,буруйбар бэйэм эмиэ оннук олоххо тийэн эрдэҕим. Миигин ким харайыай. Уу сүрэҕим тэптэҕиэн “ийээ мин ыар буруйбун бырастыы кын дуу”- диэн Сөдүөт көмүскэтин уута иэдэһинэн сүүрэн сыттыгын илиттэ. Күһүн ферма үлэтиттэн кэллэҕинэ ийэтэ арыыга алаадьы сылытан олорор буолааччы ээ,ону эдэр киһи иҥсэлээхтик хабыалаабытын кэннэ “хайа тоойуум, быырпаххын иһиэҥ дуо”- диэн баран күүлэттэн сөрүүн быырпах киллэрэн биэрээччи. Ол үчүгэйин эриэхсит,тотон испин имэринээт ороҥҥо тиэрэ түһэн утуйан хаһыҥыратар буоларым. Ийэбин кытта кыратык кэпсэтэ да түспэт этим. Ийэм оҕом кэллэ диэн үөрэн сэгэйээхтиирин мин өйдөөн көрбөт этим. Ону биирдэ холуочук кэлэн олордохпуна ийэм “тоойуум бу кими батаҥҥын тоҥуйгунуй, кытаанаххыный, миигин харайан да абырыаҥ суох дии,тоҕойум оҕотоо”- диэбитин мин “ээ чэ өлөр кэмҥэр өлүөҥ буоллаҕа, киһини утут”- диэбиппэр төһөлөөх хомойбута буолуой. Хоһугар киирэн ытаан сыҥыргыырын истэ истэ туран ааттаабакка улуу киһи истиэнэ диэкки хайыспытым.

Салгыыта кэлиэҕэ.

~Баһылай~ Хорула.

Добавить комментарий