Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыт киһи доҕоро

Главная / Кэпсээннэр / Ыт киһи доҕоро

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
24.11.2022 15:47
991 0

Родион Данилов - Ородьумаан

Сэһэн

Лаайка диэн тыһы ыт төрөөн нырылыйан сытар. Аҕыс оҕолооҕо бары ийэлэрин ыҥыргыы, ыҥыргыы эмэн соппойоллор. Ыт хаһаайына иһитин тыаһаппытыгар Лаайка ойон турда. Оҕолоро үрүө - тараа төкүнүйдүлэр. Хараҕа суох түү мээчиктэр ,ийэлэрин көрдөөн ыҥырҕастылар.Түбэһиэх ким кулгааҕын, ким кутуругун эмэн чомурҕатан иһэн ,сөбүлээбэккэ тылларынан төттөрү астылар. Хаһаайын Лаайкаҕа үүт бөлөнөх буккаастаах, уотурба бурдук хааһытын кутан биэрдэ. Ыт өрүһүспүттүү аһаан бахсырыйда. Лаайканы ыҥыралларын уонна ,айах тыаһын истэн ылларын ыта өрө мэҥийэн сүүрэн кэллэ. Лаайка ырдьыгынаата ыҥырыга суох " ыалдьыты " кулгааҕын сиирэ - халты хабыалаан тииһин тыаһа лаһырҕаата. Ыт арахпакка арҕаһын түүтүн туруоран, бөгдьөйөн туран ырдьыгыныыр. Эмискэ хаһаайын бырахпыт маһа көтөн кэлэн ойоҕоско " күп!" гыммытыгар " ньах !" диэт туора ойоот куота турда.
Ыт оҕолорун түөрт атыырын хааллардылар. түөрт тыһы ыт оҕотун куулга хаалаан, дьаакырдаан баран ойбоҥҥо уган тимирдэн кэбистилэр. Тыһы буолан төрөөбүт буруйдарыгар ,ийэлэрин сылаас хоонньуттан эмискэ муустаах уу анныгар бардахтара. Хаһаайын түөрт атыырыттан биирин хаалларан баран ,үһүн дьоҥҥо биэриэхтээх. Ылааччы дьон ыт оҕолорун ,кутуруктарыттан таҥнары ыйаан билгэлээтилэр. Биир түөрт атаҕар баһырҕастаах ыт оҕото сириллэн хаалла. Хаһаайын икки ыт оҕотун хаалларарыгар тиийдэ. Өссө икки улахан ыттардаах. Билиҥҥи ыарахан ырыынак кэмигэр ,кинилэри да иитэр сыанан аҕаабат.
Биирдэ баһырҕас уулуссанан ааһааччы оҕолору батыһан кутуруга хороҥолуу турда. Ыт оҕото сүппүтэ нэдиэлэ буолла. Хаһаайына улахаҥҥа ууран көрдүү, ирдэһэ барбатаҕа. Баһырҕас мунан аанньа аһаабакка, иһэ харбыйан тойтоҥолуу сырыттаҕына ,биир ааһан иһэр суоппар булан илдьэ барда. Дьиэтигэр илдьэн сухой бороһуок үүтү суурайан , килиэп тооромоһун ньыһыйан, онон бутугастаан аһатта. Баһырҕас иһэ тотон, сылаас гарааска сылаата таайан тэллэх бырахпыттарыгар утуйан буккуруу сытта. Сарсыныгар оҕолор ымманыйа таптааннар дьиэ иһигэр киллэрдилэр.
Ийэлэрэ кэлэн ыт оҕотун сөбүлээбэккэ таһырдьа бырахтарда. Баһырҕас орон анныгар киирэн, хойуутун толорбутун сиргэнэн эригэр ыраастатта.

  • Итинник ыттар ончу ньэрээхилэр ,бу маннык чэнчис буолуохтаахтар - дьахтар түү быыһынан нэһиилэ хараҕа кылахачыйар, сутурук саҕа тэллэх ытын таптаан ымманыйар.

Баһырҕас биирин туолан улаатта. Кэлэри - барары үрбэт көрсүө ыт.
Биирдэ түүн уоруйахтар кэлэн ,гараастарыттан бэнсииннэрин уорбуттар.

  • Бу ытыҥ ончу бөөхүллэ эбит. Түүҥҥү уоруйахтары саатар үрэн абыраабатах. Өссө атахтарын соттон аастылар ини ! - Хаһаайка Баһырҕас диэки сөбүлээбэтэхтии көрүтэлиир .

Онтон нэдиэлэ буолан баран өлүү түбэлтэлээх биир дьахтар киирэн үҥүстэ.

" Эһиги ыккыт оҕону ытырбыт "

" Биһиги ыппыт Баһырҕас ытырыахтааҕар дьөрү киһини да үрбэт ээ " - Болуодьа ытын көмүскэһэн көрдө.

" Дьэ билбэтим. Оҕолор баһырҕастаах ыт диэбиттэрэ " - дьахтар этэрин этэн баран тахсыбытыгар Болуодьа ойоҕо Морууса эмиэ эрин үрдүгэр түстэ.

  • Ити ыккын суох гын! Сыбыс сымыйанан бултаабат эрээри! Суох гымматаххына, отуо мин бу дьиэттэн барыам - Дьиэлээх хотун эрин куттуурдуу эттэ.
    Болуодьа быстыа дуу ,ойдуо дуу. Биир үөлээннээҕэр тиийдэ.

  • Дьэ доҕор сатамматым !

  • Туох кыһалҕатын быһа кыпчыйан аҕаллыҥ ?

  • Ытым оҕону ытырбыт. Дьаһай дьиэтилэр.

  • Оттон оннук буолбут буоллаҕына дьууктуур буоллахпыт дии. Илиибин хааннаабыппар соболоҥо, биир буокката туруор. Аньыыга киирбэт гына аһатыллыа этэ - Ыт өлөрүөхсүтэ куолайын тыктан баран ,силин дьүккүк гыннаран ыйыһынна. Болуодьа син - биир көрдүүрүн билэр буолан, тэлигириэйкэтин сиэҕиттэн биир иһити сулбу ойутан таһааран биэрдэ. Киһитэ туох эрэ күндүнү көрбүттүү ытыһын " лас " гына охсунаат. Иһити - хомуоһу тыаһаппытынан барда.


Болуодьа Ыт Өлөрүөхсүтүн кытта арыгы иһиспэтэ. Таһырдьа тахсыбыта Баһырҕаһа хаһаайынын кэтэһэн токуллан сытар. Болуодьа тутан ылан быалаан биэрдэ, уонна ытын өлөрөрүн көрүмээри атахха биллэрдэ. Баһырҕас хаһаайынын " манна тоҕо хааллардыҥ ? " диэбиттии көрөн ,сайыһан хаалла.
Өлөрүөхсүт хайдах кэбэҕэстик дьакыйарын анаарардыы мылаллан турбахтаата. Саанан дэҥниэн ытырыыга суох эбит. Онон үгүс тыаһы ууһу таһаарбакка , ботуруону бараабакка бэйэтин быатынан тууйуон санаата. Дьиэтигэр киирэн өссө биир үрүүмкэни куттан истэ. Уонна сорунуулаах аҕайдык Баһырҕаһы сиэппитинэн тыа диэки барда. Өлөрүөхсүт үүнэн турар

ачаахтаах харыйаҕа сиэрдийэ уган быктарда. Уонна онно Баһырҕаһы баайда. Онтон нөҥүө өттүттэн баттаата. Ыт бааллыбыт маһа, ачаахтыы үүммүт икки салаалаах харыйаҕа тэптиргэлэннэ. Өрө дэгдэс гыммытыгар, ыт быаҕа хабарҕаланан хардьыгынаата. Мөхсөн өлөрдүү чиччигинээбитигэр быата быһа ыстанна. Баһырҕас муохха кэлэн түһээт, хабарҕатыгар быһа киирбит быаны төлөрүтээри хардьыгынаабытынан атаҕынан тэбиэлэннэ. Ол кэмҥэ Өлөрүөхсүт дьэ өй ылан быа быстаҕаһын тута сатыыр. Баһырҕас ыга туппут быаттан төлөрүйээт , тыа быыһыгар киирээт сырбас гынан куота турда.


Болуодьалаах кыра уоллара ыттарын өлөрбүттэрин аһынан ытыыр.
Кыыстара оскуолаттан кэлэн баран этэр.

" Ол оҕону атын ыт ытырбытын билбиттэр, биир ханнык эрэ киһини эмиэ ытырбыт үһү Баһырҕаһы буруйа суоҕар өлөттөрдүгүт ! - кыыһа эппитигэр Морууса истибэтэҕэ буолар.

Сотору таһыттан уолларын үөрбүт саҥата иһилиннэ.

" Баһырҕас кэллээ!"

Тахсан көрбүттэрэ ыттара моонньугар быа салыбырыыр, кутуругун эйэҥэлэтэр.
Чочумча буолаат Ыт Өлөрүөхсүтэ кэлбитин Баһырҕас быһа хаба сыста. Болуодьа тахсан өрүһүйдэ.

  • Дьэ доҕор куоттаран кэбистим ээ. Ыйаары мүччү туттум. Илдьэн биэриэҥ буолаарай . Бу сырыыга " буулдьа аһылыга " оҥоруллуо этэ.

  • Ыппытын өлөрүмээ ! - уоллара ону истэн ытын көмүскэһэр.

  • Кэбис доҕор. Сырыттын . Оҕолор
    буолумматтар. Уонна били оҕону атын ыт ытырбыт эбит.

  • Чэ буоллун . Оҕуһу иккиһин сүлүллүбэт - диэт Ыт Өлөрүөхсүтэ дьиэлээтэ.


Морууса биирдэ дьахталлары кытта отоннуу барда. Кыыһын илдьэ барбытын биирдэһэ Баһырҕаһы батыһыннарда.
Морууса хойуу отоҥҥо үлүһүйэн дьахталлартан тэйбитин билбэккэ хаалла. Үөгүлүү, үөгүлүү көрдүү сатаата да атын сиринэн баран хаалла. Ханна эрэ кинини ыҥырар курдуктар. Санаатыгар саҥа хоту барар курдук да, өй дуораана эҥсиллэн тус хоту диэки барар. Иһиллээтэҕинэ ким да саҥата иһиллибэт буолла. Муммутун билэн ыксаата. Арай көрдөҕүнэ харыйалар быыстарыгар ким эрэ сылдьар. Морууса охтон түһэ,түһэ киниэхэ барда. Өйдөөн көрбүтэ аарыма тыатааҕы киһи курдук икки атаҕар турар эбит. Морууса сарылаан ый - хай бөҕөнү түһэрдэ. Куоттаҕына эһэтэ эккирэтэр ,тохтоотоҕуна тохтоон тонолуппакка одуулуур. Морууса баҕар ыт истэн кэлиэ диэн Баһырҕаһы ыҥырар.


Баһырҕас иччитэ дьахтар үөгүлүүрүн иһиттэ. Саҥа хоту сүүрэн истэ. Иттэннэри түспүт иэһэрдэри ойон ааһар.Сүүрэн маҕыйан кэлэн, Моруусаҕа субу сабы түһүөхтүү, багдаллан турар тыатааҕы сабырҕаҕар хатана түстэ. Эһэ “дьэ өстөөҕүм бу баар эбит " диэбиттии баппаҕайынан ,сиирэ - халты сабырҕатта. Баһырҕас мүччү - хаччы туттаран ,аһартаан биэрэр. Хаһаайкатыттан тэйитэрдии куотар. Ыты кытта эһэ аймалҕана иһийбит тыаны аймаата. Ол кэмҥэ Морууса атахха биллэрдэ. Кутталыттан аҕылыырын да умнубут. Ыт үрэрэ арыый тэйбитин кэннэ уоскуйан тыын ыла түстэ иһиллээтэ. Ыаҕастаах отонун ханна бырахпытын да билбэт. Буолумуна өлөр - тиллэр мөккүөрүгэр отон, солуур барыта умнуллар. Сис аллара ханна эрэ кинини үөгүлүүр саҥаларын иһиттэ. Оннук үөгүлэһэн чугаһаан истилэр.
Отонньут дьахталлар ыга куттаммыт Моруусаны булан үөрдүлэр. Кыыһа ийэтин ыҥыра сатаан күөмэйэ бүппүт. Дэлби ытаабыт.

Тыатааҕыттан ыта Баһырҕас быыһаабытын сарсыныгар кэпсээтэ.
Өлөттөрө сатаабыт ыта, бэйэтин өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан быыһаабыта. Онтон санаата оонньоон кыбыстар курдук туттар . Ыксаллаах түгэҥҥэ ыта быыһаабытын санаан ытамньыйан ылар .Ыттарын икки күн күүттүлэр.
Оҕолоро аҕаларыгар, Баһырҕаһы буларыгар көрдөһөллөр.


Баһырҕас тыатааҕыттан мүччү туттаран куотта. Ол эрээри сиһин балык уҥуоҕун быһа хаптаран ,кэнники кыайан хамсаабат буолан сытар. Үнүөхтүү сатаан баран ыарыытыттан өйүн сүтэрдэ. Ханна эрэ бөрөлөр улуйаллар. Хараҥаҕа хара тыа быыһынан харахтара умайар уоттара элэҥнэһэллэр.


Моруусаттан бүгүн хаһыаттар интервью ыллылар. Хаартыскаҕа түһэрдилэр. Эбиитин тэлэбиисэргэ устуохтаахтар. Баһырҕас кинини хайдах быыһаабытын кэпсиэхтээх. Морууса бүгүн сиэркилэ инниттэн арахпата. Араас былааччыйалары кэтэн көрөр, сиэркилэ иннигэр эргичийэр - курбачыйар. Намылыйа сылдьыбыт суһуоҕун плойканан эриммитэ, хаамтаҕын аайы долгулдьуйа үрэллэр. Имин хаана кэйбиттим румяна оҥостон тэтэрдэн кэбистэ. Помаданан уоһун кыттардан баран убураһан эрэрдии чомурҕатан ылар. Морууса ытыаҕар диэри маанымсыйда. Буолумуна кинини билигин, өрөспүүбүлүкэ барыта көрүө турдаҕа.
Харчы төлөөн хааһын оҥоттордо. Оҥоһуу уһун кыламан кэппитэ хараҕын сабыччы түһэр. Ону көтөҕө сатыырдыы ыйаастыгас хараҕын кэҥэтэ сатаан симириҥнэтэр. Болуодьата киирэн "

ама бу били мин ойоҕум дуо? " диэбиттии аллараттан үөһээ өрө көрөн таһаарда.

  • Хайа сэгээр бу ханна бараары, киэргэнниҥ симэнниҥ?

  • Оттон били НВКлар миигин уста кэлиэх буолбуттара дии.

  • Манна дуо? Тыый оччоҕо дьиэни өрө тарда түһүҥҥүтүүй?

  • Тоҕо манна буолуой. Кулуубка ыҥырбыттара.

  • Оттон ол камераларын иннигэр, этиэхтээх тылгын бэлэмнээтиҥ дуо? - Болуодьата эппитигэр дьэ саҥа өйдөммүттүү мунаарда. Оҥоһук кыламанын ибирдэттэ. Тугу эрэ анааран эрэрдии өһүө диэки көрбөхтөөн баран :

  • Оттон отоннуу сырыттахпына миигин ыт, эһэттэн быыһаабытын кэпсиир инибин. " Ыт киһи доҕоро " диэн биэрии оҥороллор эбит.

  • Оттон ыйытыахтара дии. Ыккытын хайдах ииппиккитий ? диэн

  • Булан хоруйдуом чэ.

  • Этиэхтээх тылгын, сааһылаан эрэппэтииссийэлэнэ түһүөххүн.
    Ытыҥ билигин ханна баарый ? - диэн ыйытыахтара дии.

  • Тыаҕа сүппүтэ дэниллиэ -
    Морууса улахаҥҥа уурбатахтыы туттар.

  • Оо дьэ хайдах эрэ хобдох баайы буолсу дии. Дьон бары көрүөҕэ. Баһырҕаһы өлөттөрө сатаабыппытын бөһүөлэк дьоно билбитэ дии. Ону хайдах эрэ алы гынан…

  • Оо дьэ Володяя! Киһи настроениятын түһэримэ эрээ !

  • Ээ чэ. Сөп …- Болуодьа Баһырҕаһын санаан хараастыбыт киһи быһыытынан, таһырдьа ынахтарын бэрийэ таҕыста.


Бу кэмҥэ Баһырҕас эрэйдээх. Нэһиилэ үнүөхтээн сыыла сатаахтыыр. Бааһын салана сатыыр да өйүн сүтэрэн кэбиһэр. Ол кэмҥэ икки матасыыкыллаах ,кусчут уолаттар тохтоотулар.

  • Көр доҕор бу ханнык эрэ ыт сытар.

  • Саанан ыппыттар дуу тугуй .

  • Тыыннаах дии. Илдьэ барыах. Баҕар булчут ыт буолуо.

  • Ээ кинини ханна соһуон гынан ! Куобахчыт сордоох ини. Ол иһин ыттахтара.
    Муҥнамматын курдук тыынын салҕаан кэбиһиэххэ !

  • Тохтоо эрэ ! Ытыма хайаама ! Көр, арааһа бу ыт тыатааҕыны кытта охсуспут. Тиис дуу ,тыҥырах дуу суола баар. Булчут ыт быһыылаах. Илдьэ барыахха…хаһаайына көстүбэтэҕинэ ыт гыныллыа - Бүөккэ Баһырҕаһы көтөҕөн ылан ,матасыыкыл кэлээскэтигэр тиэйдэ. Хата саҥаһа бэтэринээр буолан ,онно илдьэн эмтэттэ. Ыт уҥуоҕа эҥин эчэйбэтэх. Хаана баран өйүн сүтэрбит эбит.
    Баһырҕас аҕыйах хоноот туран хаамар, бэйэтэ аһыыр буолла.

  • Аҕыйах хонуктааҕыта биир дьахтар тэлэбиисэргэ көстөн ааспыта. Ыта тыатааҕыттан быыһаабыт диэн баара - Ийэтэ Бүөккэҕэ этэр.

  • Ханнааҕыный?

  • Биһиги ыаллыы нэһилиэкпит.

  • Ама ол ыт буолуо дуо?

  • Билбэтим. Хаһаайкатын быыһаан баран, тыаҕа сүппүт. “Тыатааҕы тардыбыта буолуо " - диэн сабаҕалыыллар.

  • Ээ оччоҕо кинилэр ыттара эбит. Тыатааҕыттан эчэйбитин биһиги буллахпыт дии.

  • Оччоҕо хайыыгын биэрэҕин буоллаҕа дии.

  • Хантан билэн кинилэри булуохпунуй. Сылдьан эрдин - Бүөккэ Баһырҕаһы төбөтүн имэрийэр. Онуоха ыт махтаммыттыы көрөн , кутуругун эйэҥэлэтэр.


Ыт Өлөрүөхсүтүн ыттар уулуссаҕа эккирэтэ сылдьан үрэллэр. Хаһан эрэ " сыбаайбаһыт " ыттарга түбэһэн бэйэтин " ыт " оҥоро сыспыттара. Дьон көрөн нэһиилэ өрүһүйбүтэ. Тэлигириэйкэтин баататын бурҕаҥнаппыт этилэр. Бүгүн Ыт Өлөрүөхсүтэ суолга Болуодьаны көрүстэ.

  • Туох кэпсиэ.

  • Суох. Эйиэнэ.

  • Туох ааттаах дьон уоһуттан түспэт номохтоох ыты өлөттөрө сатаабыккыный?

  • Онно туох баар ? - Болуодьа сөбүлээбэтэхтии иҥиэттэр.

  • Тэлэбиисэр сирэйин бараабыт дии. Миигин " хаарыан ыты өлөрө сатаабыккын " дииллэр. Өссө эн да ол киһини быыһаабыт ыты ,тыаҕа сайылаатыҥ ини! " диэн үтэн анньан көрөллөр - Ыт Өлөрүөхсүтэ үҥсэргиир.

  • Эн буруйуҥ үһү дуо? Хаарыан ыты бэйэбит билбэккэ дьууктата сатаатахпыт дии.

  • Тыаҕа тахсан көрдөөн көрбөтүгүт дуо?

  • Көрдүү сатаабыппыт. Ууга тааһы бырахпыттыы сүттэ.


Баһырҕас Бүөккэҕэ убанан батыһа сылдьар буолла. Куһу ыттаҕына таһаарар. Бүөккэ бүгүн сарсыарда эмиэ кустуу киирдэ. Күөлүн мууһа үрдэ тоҥон хаалбыт. Кус түспэтэ. Кэлэн түһүөхчэ саараан баран, өрө көтөн тахсан, өрүс диэки ааһаллар. Бүөккэ эрэһиинэ тыытын үрдэрэн мончууктарын ыла киирдэ. Тоҥмот уулаахха өрүскэ киирэн маныыһы. Тыынан эрдинэн түннүк өстүөкүлэтин курдук ньалба мууһу тоһоон киирдэ. Мончууктарын хомуйа сырытта.

Эмискэ сытыы кырыылаах муус түбэһэн тыытын тэстэ. Эрэһиинэ тыы шар курдук " пуушш! " гынан эстэн хаалла да Бүөккэ ууга түстэ. Кытыл диэки харбаата. Истээх соно ,халыҥ ыстаана илийэн аллара диэки дьаакырдыы тардар, эбиитин уһун остоох саппыкытыгар уу киирэн , аллараттан ким эрэ тардар курдук ыараата. Бүөккэ маҕыйар күүһүнэн харбыы сатыыр. Көрдөххө чугас курдук эрээри муустаах ууга харбыыр ыарахан эбит. Бүөккэ ыксаата.
Баһырҕас бастаан уол ууга булумахтанарын өйдөөбөтө. Олоотуур ыйылаамахтаан ылар. " Тыҥырах кээл…Быыһаа !” ыксаабыт киһи саҥата иһийбит тыаны аймаата. Бүөккэ ыты итинник ааттаабыта. Ууга түһэн эрэр киһи оттон тардыһарыныы диэн саха өс хоһооно баар. Ол курдук Бүөккэ ыт кинини хайдах быыһыахтааҕын да өйдүү сатыыр түгэн суох. Кыайан быыһанар кыаҕа суоҕуттан ыксаан үөгүлүүр.


Бүөккэ балыыһаҕа биирдэ өйдөннө.
Барыта маҥан эркин көстөр. Маҥан халааттаах аанньаллар хаамсаллар. Аттыгар ийэтэ олорор эбит. Ийэтэ кэпсииринэн Баһырҕас бүтүннүү ууга илийэн кэлбит. Онон - манан быһыта барбыт сиринэн хааннаах эбит. Уоллара туох эрэ буолбутун сэрэйэн ,аҕатын кытта убайа Баһырҕаһы батыһан тиийбиттэрэ, Бүөккэ кытылга сытар үһү. Уол муустаах ууттан тахса сатаан, ууну эҕирийэн чачайан тыына хааттарарын өйдүүр . Эмиэ да ыта харбаан кэлэн соһон иһэр. Киһини кыайбакка сыралаһан бэйэтэ тимирбэхтиир.

  • Дьэ ити булумньу ыппыт эйиэхэ таҥара буолла. Итиннэ таһырдьа баар. Батыһан кэлистэ - ийэтэ кэпсиир.

Бүөккэ эдэр буолан түргэнник үтүөрдэ.
Били Баһырҕаһы бастаан булсубут атаһын көрүстэ. Ууга түһэн балыыһаҕа киирэн тахсыбытын кэпсээтэ.

  • Миигин били булбут ыппыт өрүһүйдэ ээ доҕор.

  • Эс сымыйаҥ ини. Били дьахтары ити ыт тыатааҕыттан быыһаабытын истибитим. Ону үтүктээри гынныҥ дуо. Бэрт киһи тэлэбиисэргэ көстөөрү - Атаһа күлэн кэбиһэр.

  • Баҕар итэҕэйимэ !Эйиэнэ барыта итинник. Эн ити хаарыан ыты ытан кэбиһэ сыспытыҥ. Ону мин кинини өрүһүйбүтүм эйигиттэн. Уонна ыты дьиэбэр аҕалан эмтээбитим. Ону махтаммыт курдук буолан таҕыста.

  • Чэ өһүргэнимэ доҕор. Оонньоон этэбин. Тыый кырдьык буоллаҕына ,дьикти эбит дии. Туох ааттаах таҥара буолбут ытай. Хаһаайын буолла да өрүһүйэн иһэр. Киһи эрэ итэҕэйиэ суоҕун курдук дии.

  • Мин дьолбор көстүбүт ыт. Ыт киһи доҕоро дииллэрэ кырдьык эбит.

  • Оннук эбит.


Бүөккэ дьиэ таһыттан сылдьан атынан тыаҕа хаамар. Баһырҕас тыаҕа барар үөрүүтүттэн ат тула сүүрэккэлиир. Үрбэхтээн ылар. Саҥа түспүт хаарга күөлэһийбэхтиир. Уонна ат иннигэр сүүрэн кутуруга субурус гынар. Тииҥ суолун сытырҕалаат суолун хайда. Өр - өтөр буолбата ,тииҥ маска хачыгырайан тахсан ,бэс лабаатыгар чэрэллэн олорон ,үрэн лоҥкунатар ыты таҥнары өҥөйөн одуулуур. Онтон мастан маска ойуолуур. Ону Баһырҕас эккирэтэ сылдьан үрэр. Сотору Бүөккэ кэлэн, маска ыта тииҥи таһаарбытын көрдө.

  • Ээ Тыҥырах тииҥи ыппаппын. Киискэ барыах кэл..саарбаҕа - Бүөккэ атын суол диэки салайда. Баһырҕас тииҥи көрөн ыйылаамахтыы түһээт хаһаайынын ойоҕолоон ааһа сүүрдэ. Сиһи нөҥүөлээбиттэрин кэннэ киис суола көһүннэ. Баһырҕас хайа диэки ааспытын билээри төттөрү - таары ойуоккалыыр. Син өр эккирэттилэр. Бүөккэ тохтоон ытын иһиллээтэ. Үрэх өрө диэки ыта үрэн " моҥ, моҥ !!” диирэ иһиллэр. Ыт үрэр сиригэр чугаһаата, ыарҕалаах ыдьыгына быыһыгар буолан ,атын баайан сатыы тиийдэ.
    Баһырҕас кииһи үрдүк тииккэ таһааран үрэ олорор. Ыйылаамахтаан ылар. Бүөккэ маска эрийэ көтөн кииһи төбөтүн быктаран ытыалаата. Туосапка тыаһа " пууш !" гынна. Сыыһа ытыллан аттынан буулдьа ыйылаан ааспытыгар ,киис мас төбөтүгэр тахсан биэрдэ. Үһүс ытыытыгар дьэ төбөҕө табыллан ,салгыҥҥа өрө эһиллэн, төбөтүн оройунан хойуостанна. Сиргэ түһүүтүгэр Баһырҕас хабаары ойон эрдэҕинэ Бүөккэ буойда. Онуоха өйдөөх ыт барахсан тохтоон хаалла. Бүгүн икки киистэнэн дьиэлэригэр төннөн истилэр.
    Баһырҕас сылайбыта көстүбэт. Ойуоккалаан хаары бурҕайара, сэниэтэ сүрдээх. Онтон сотору кииһи үрэринээҕэр атыннык үрэн баргыйда . Үрэрин быыһыгар ырдьыгынаан ылар.
    " Тыатааҕы !" дии санаат уол салынна. Төннүөн санаан баран ытын былдьатымаары эрэ баран көрөргө быһаарынна. Тиийбитэ аарыма тайах тула көтө сылдьан үрэр ыты, адаарыйбыт сыгынах курдук муостарынан сиэлийбэхтиир. Куотаары гыннаҕына ыт иннин күөйээт үрэн баргыйар. " Туосапканан хотутуом дуо? Хойомул
    буоллаҕына бэйэбин былдьыа " диэн Бүөккэ саарыы турда. Аны ыппатаҕына ыта хомойуо турдаҕа…

Бүөккэ тайаҕы ытаары бэстэринэн хаххаланан киирэн истэ. Тайах ыттан куотан уолга уонча эрэ хардыы чугаһаата. Баһырҕас такымыттан ытырбытыгар өрүтэ тэбиэлэннэ. Ол кэмҥэ ыт халбарыс гынаат тайах иннигэр буолла. Тула көтө сылдьан үрэр. Тайах күлтэччи көрөн муоһунан сиэлийэр кэмигэр ,Бүөккэ тутуһан туран сүүскэ ытта. Тайах өс киирбэх тобуктуу түстэ. Уол ол кэмҥэ ииттэ охсон эбии иккитэ ытта. Тайах күөлэһийэн , иэһэрдии охтубут куруҥ мас лабаатын, үлтү барчалаан адаарыйда.

Бүөккэ дьиэтигэр икки киистээх, эбиитин тайах этэ ыырдан кэлбитин сөҕө - махтайа көрүстүлэр. Аҕатынаан буранынан тайах сорох этин тиэйэн аҕаллылар.

" Дьэ бу туох ааттаах ыта көстүбүтэй " диэн Баһырҕаһы хайгыыллар.
Бүөккэ ити кэннэ , хаһааҥытааҕар да элбэх кииһи тутта.

Баһырҕас аны тыатааҕы арҕаҕын булла. Өйдөөх ыт сытырҕалаан баран, үрбэккэ үөмэн тиийэн, арҕах иччилээҕин билэн. " Хайыыбыт ? " диэбиттии иччитин диэки хайыһан көрөр. Бүөккэ хаар томтор үллэн көстөрүн тэйиччиттэн көрдө. Эһэ тыына бургучуйан маһы кырыардыбыт.

" Тыҥырах тсс.тсс.кэл,кэл !" диэн сибигинэйэ былаан ыҥырда. Илиитинэн далбаатаата. Ыта сүүрэн кэллэ. Бүөккэ саллан дьиэтигэр төннөн кэлэн ,аҕатын кытта убайын илдьэ баран бултаатылар.


Морууса арай түүн утуйа сытан түһээтэҕинэ , эмиэ отоннуу сылдьан мунан тыаҕа баар буолан хаалбыт. Дьонун ыҥыра сатаан үөгүлүүр да саҥата тахсыбат. Эмискэ иннигэр аарыма эһэ ,айаҕын кытарчы аппытынан турар.
Морууса тыатааҕыттан куотаары маска сирэйин ,хараҕын хайыта тарта. Онтон эмискэ ыттара Баһырҕас баар буолар. Морууса үөрэн " Уш,уш! тук,тук! ол баар эһэ! Сиэри гыннаа ! - диэн ытыгар эрэнэн ускайдыыр. Онуоха ыта кыһаммат, кэлэйбиттии көрөр. Хараҕын уута субуруйар. Морууса эһэттэн салгыы куотар. Адьырҕа кыыл кинини баттаҕын аһыттан харбаан ылан тиэрэ баттыыр. Үрдүгэр баттаан сытан айаҕын аппытынан, хадьырыйа сатыыр.

" Уһугун эрэ хотуой ! Туох ааттаах баттаттыҥ ?! " - эрэ Болуодьа ойоҕо ыҥыранарыттан уһуктан уһугуннараары тардыалыыр.

  • Һуу айа ! Эмиэ ону - маны түһээтим. Ити тыатааҕы ити ыт эмиэ түүлбэр киирдилэр!

  • Ханнык ыт? Баһырҕас дуо?

  • Кини буолумуна - Дьахтар туран уоскуйаары валокордин эми истэ.


Ыт Өлөрүөхсүтэ арыгылыы сылдьан ыаллыы нэһилиэгэр тиийэн хаалбыт. Үөлээннээҕин Бүөккэ аҕатын кытта арыгы иһэ олороллор.

  • Быйыл булкут аскыт хайдаҕый? - Ыт Өлөрүөхсүтэ Саабый ыйытар.

  • Быйыл баҕас син табылынныбыт диэххэ син. Уолум үчүгэй ыт булан абыранна - Бүөккэ аҕата арыгы иһэн айаҕа аһыллыбычча кэпсиир - Ол булт диэхтээн . Быйыл күһүн уолум кустуу сылдьан муустаах ууга түспүтүн ити ыт быыһаата. Онон дьэ аанньал курдук ыт көстөн турар - Аҕата өссө да кэпсиэҕин Бүөккэ хостон истэн олорон сөбүлээбэтэхтии көхсүн этиттэ. Куухунаҕа кэлэн :

  • Аҕаа сөп буолуо. Уонна иһимэ итирээри гыммыккын !

  • Так, так “ыт уолбун быыһаабыта " диэтиҥ дуу. Биһиэхэ эмиэ биир ыт дьахтары тыатааҕыттан өрүһүйэн турар. Көрдөр эрэ ол ыккын көрүөҕү - Саабый таһырдьа тахсыахтыы сонун кэтэр. Холуочуйан тиэрэ - маары көртөлүүр. Бөтөн ылар.

  • Чэ Убайка сөп буолуо дьиэлээ !

  • Ыы…ыты көрүөҕүүй !

  • Ыттар суохтар. Убайбын батыһан ханна эрэ барбыттар - Бүөккэ сымыйалаан кубарытар.

  • Ээ чэ суох буоллаҕына суох буоллаҕа дии

  • диэн баран таҕыста. Ол кэмҥэ хантан эрэ Баһырҕас сүүрэн кэлэн ,Ыт Өлөрүөхсүтүн сиирэ - халты ытыран өлөр хаһыытын таһаарда.

  • Чууоот ! Чыыт ! Аны манна тиийэ ыт сиэри гынна ! - үөгүлээмэхтээтэ. Онтон Баһырҕаһы билэн - Тыый доҕор бу били ыт дии ! Дьахтары быыһаабыт, тэлэбиисэр сирэйин марайдаабыт ыт ! Бар аҕаҕын ыҥыр эрэ нохоо ! - уолга эппитигэр Бүөккэ сирэйэ холунна. Хаарыан ытыттан матарын санаан саҥатыттан матта.


Ыт Өлөрүөхсүтэ Саабый Болуодьалаахха кэлэн ,ыттарын булбутун кэпсээтэ.
Бастаан итэҕэйбэтилэр. Мээнэ арыгылаан сымыйаны туойар дии санаатылар.
" Итэҕэйбэт буоллаххытына

кэпсээбэппин " диэт Саабый ыт бэргэһэтин, үтүлүгүн кэтэн тахсан эрдэҕинэ Болуодьа тохтотто.

Сарсыныгар массыынанан ыаллыы нэһилиэккэ, Бүөккэлээххэ тиийбиттэрэ кырдьык Баһырҕастара баар эбит. Урукку хаһаайыттарын көрөн, кутуругун эйэҥэлэтэр. Бүөккэ хайдах булбутун кэпсээтэ.
Болуодьалаах Морууса махтанан баран, ыттарын массыынаҕа тиэйэн илдьэ бараары гыннылар.
Бүөккэ ыты сайыһа көрбөхтөөн баран :

  • Ыккытын миэхэ атыылыаххыт суоҕа дуо? - диэн ыйытта.

  • Суох атыылаабаппыт ! - Морууса быһа - бааччы этэр.

  • Бургунас иһин атастаһыаххыт суоҕа дуо? Мин бултуурбар ыкка олус наадыйабын - Бүөккэ - эппитигэр Морууса саҥарбата. Токкуйдуур.

  • Көрүөхпүт. Токкуйданан баран эрийэ сылдьыахпыт - диэн Бүөккэлээх дьиэтээҕи төлөпүөннэрин нүөмэрин ыллылар.

Барбыттарын кэннэ Бүөккэ дьонуттан ыйытар. Тыһы бургунас иһин атастаһабыт дуо? - диэн ыйытта.

" Ыт аайы сүөһүнү биэрээри гынаҕын дуо? !” - ийэтэ сөбүлэммэт.

“Оҕом сөпкө этэр. Баартаах ыт барахсан оччолооҕу төттөрү төннөрүөҕэ. Оччолооҕу бултуохтара " - аҕата уолун диэки буолар. Ийэтэ кэнники сөбүлэстэ.

Бүөккэ төһө да онтон үөрбүтүн иһин , аны анараа дьон сөбүлэҥнэрэ наада.

Сарсыныгар уол ыт иччилэрэ эрийэллэрин кэтэһэр. Дьиэтигэр олордоҕуна арай таһырдьа ыт үрдэ. Бүөккэ ойон тахсыбыта Баһырҕас турар " Тыҥырах ! " диэн уол бэйэтэ ааттаабытынан ыҥыраат ыты кууһа түстэ.

Дьиэтигэр киирэн төлөпүөнү маныыр. Ыта баран хаалыа диэн аны ону көрөр.

Болуодьа күнүскү омурҕан кэннэ эрийдэ.

  • Ыт итиннэ тиийдэ дуо? Баайбатахпыт ,онтубут ханна эрэ барбыт.

  • Сарсыарда манна кэлбитэ. Хайыыр буоллугут? Атастаһаҕыт дуо? - Бүөккэ өрүсүһэн ыйытар.

  • Ылар буоллаҕыҥ дии. Кэргэммин кытта кэпсэттим - Болуодьа саҥата ыраатан ылар.

  • Бэрт эбит. Мин дьонум эмиэ сөбүлэстилэр. Оччоҕо бургунаспын илдьэн биэриэм.

  • Ээ суох кэбис наадата суох.

  • Ээ диэ…

  • Мин бултаабаппын ,булчут киһи ылар буоллаҕыҥ дии - Болуодьа мас - көнө киһи буолан Моруусатын кытта босхо биэриэххэ диэн кэпсэппитэ. Онуоха хаһан эрэ ыты суох гыныан баҕарбыта умнуллан , наадата кэлэн ыты сүөһү иһин атастаһыан баҕарбыта. " Булчут киһи туһаннын, ыт манна дьиэҕэ сытан муунту буолуо. Оҕолорго атын ыт оҕото булуохпут " диэбитигэр оҕолоро балаһыанньаны өйдөөн эмиэ сөбүлэспиттэрэ.

  • Ээ сөп . Улахан махтал ! - Бүөккэ төлөпүөнүн араарда.Босхо бэлэхтээтилэр диэн дьонун үөртэ.

Таһырдьа тахсан ытын кытта хаарга күөлэһийэн мэниктээтилэр.

Бүөккэ дьонун сүбэтинэн уазигын собуоттаан Болуодьалаахха тайах этэ, уонна биир бэргэһэ тахсар саарба тириитин илдьэн биэрдэ. Морууса соһуччу бэлэхтэн эмиэ үөрдэ.

" Ыппыт аата Баһырҕас диэн "

" Ээ сөп. Мин Тыҥырах диэн ааттыы сылдьыбытым. Баһырҕас да буоллун . Чэ көрсүөххэ диэри, хаһан эмит байанай тосхойдоҕуна, Баһырҕас биһикки
эмиэ эһиэхэ биллэ сылдьыахпыт " Бүөккэ тахсан барда.

Бүттэ.

Ородьумаан

14.10.2020.

Добавить комментарий