Главная / Кэпсээннэр / БЭРГЭН (Родион Данилов - Ородьумаан)
Добавить комментарий
Родион Данилов - Ородьумаан
Сэһэн
Бэргэн Бодойбоҕо көмүстээх тайҕаҕа, сылы быһа үлэлээн эрэйдэммит, көмүһүттэн ытыһын сотунна. Бодойботтон айаннаан истэхтэринэ, ороспуонньуктар тоһуйан сытан бэрдээнинэн ытыалаабыттара. Икки куомуннааҕын, эр биир тиэритэ ытыалаабыттарыгар ,Бэргэн кыл мүччү тыынын тэскилэппитэ. Билигин түҥ тыаҕа ,аһаҕас халлааҥҥа соҕотох хаалан ,хайдах дойдутун буларын саныы олорор. Биитим өрүһүнэн Элиэнэҕэ устан киирээри дүлүҥнэри холбоон болуот оҥоһунна. Быһаҕынан сигэ талахтары быһан баайда. Дохсун сүүрүк таҥнары устан иһэн көрбүтэ, кытылга оҕолоох эһэ турар. Икки кэлин атаҕар туран олоотуур. Бэргэн сатыы барбыта буоллар түбэһиэх эбит. Устан иһэн чычаас харгыга анньылынна. Балыктар эҕэтигэр киирэн оргуйа сыталларын тутан үссэннэ. Салгыы устан иһэн сүүрүккэ оҕустаран, болуота тааска саайан ыһылла түстэ. Ууга буккуллан атаҕынан чычааска таарыйан, оломноон кытылга нэһиилэ таҕыста. Болуотун мастара босхоломмучча үрүө - тараа ыһыллан ,кыһыппыттыы үөс диэки киирэн таҥнары уста турдулар. Бэргэн кытылга таҥаһын устан ыгынна. Тааска куурда тэлгэттэ. Уол хайыан да билиминэ кытылга хаамыталыы сырытта. Киэһэ үрэх хаспаҕын оҥхойугар киирэн, онно утуйан хонно. Сарсыарда хара сыыртан өрүс диэки көрбүтэ, икки оҥочолоох киһи устан кэлэн тигистилэр. Өйдөөн көрбүтэ били кини доҕотторун өлөртөөн баран, көмүстэрин халаабыт дьон эбит. " Түөртэр этэ дии ,иккитэ ханна эбитэ буолла, көмүстэрин үллэстэн тарҕаспыттара эбитэ дуу , эбэтэр көҥөнөн " сайылаан " да кэбистэхтэринэ көҥүл дьон. Бэргэн куотуох курдук буолан иһэн, харса суох санаатын киллэрдэ. " Ханна да баран сүтэрэрим суох, кыргыһан баран өлбүт ордук, доҕотторбун ситиһиэм!" - уол сымыһаҕын быһа ытырда. Тарбахтарын тыаһа лачыгырыар диэри сутуругун ыга тутта. Кытылга оҥочолорун тардан баран ,икки өлөрүөхсүт тыа диэки хаамтылар, иккиэн эр биир ботуоҥка сүгүүлээхтэр. Онно ыарахан таһаҕас баарын биллэрэн ,нүксүччү туттан хаамаллар. Бэргэн көрө сытан, быһаҕын бигээн көрдө. Онтон ол дьон иккиэн бэрдээн сүгүүлээхтэрин көрөн чаҕыйа санаата.
Икки киһи өрүс кытылын ,хара сыырын дабайан тахсан ,сынньанаары ыарахан сүгэһэрдэрин түһэрдилэр. Биирдэһэ татаар иккиһэ нуучча. Кинилэр дойдуларыттан, көмүскэ үлэлии кэлэн бараннар, сүрэҕэдьээн үлэлээбэккэ көмүһү чэпчэкилии, дьонтон былдьаан ыларга санаммыттара. Көмүскэ үлэлииргэ сөптөөх тэрил ылыахтаах, уонна аһыахтаах харчыларынан саа ,сэп атыыласпыттара. Уонна көмүскэ үлэлээн бүтэн баран иһэр дьоннору халаары, кэтэспиттэрэ да ким да биллэ охсубат этэ. Онтон кэмниэ кэнэҕэс, үс ыарахан сүгэһэрдээх дьон кытыл диэки кэлэн иһэллэрин , иккитин ытыалаан охторбуттара , үһүстэрин куоттарбыттара. Баара суоҕа үс буулдьа кэннэ ,соҕотохто байа түспүт үөрүүлэрин кистээбэтэхтэрэ. Газитулла диэн сулардыы бытыктаах татаар киһитэ, көмүһү тутан көрөн мэктиэтигэр илиитэ салҕалаабыта. Үөрэн сыҥааҕа эйэҥэлии түспүтэ, киниэхэ таҥара дьолу тосхойбутунуу умса түһэн олорон туоҕу эрэ ботугураабыта. Онтон эмискэ аттыгар ,дьоннор баалларын саҥа көрбүттүү сирэйэ уларыйан ,дьэбин уоһуйа түспүтэ. Көхсүн этитэн, баран ойон турбута. Үс куомуннааҕын хамаандалаан өрүскэ киирбиттэрэ. Түөрт киһи эрдэр улахан оҥочотугар олорсон ,өрүс хаҥас кытылыгар тиксибиттэрэ. Газитулла эрэнэр киһитин Герасимы ыҥыран эппитэ :" Герасим надо избавиться от этих двоих. Нам обоим больше золото достанется " диэбитигэр, биирдэһэ сөбүлэһэн , иккиэн хайдах өмүтүннэрэн сабы түһэн боҕутуннаралларын сүбэлэстилэр. Икки эрэ саалаахтар. Биир сааны Газитулла иккис сааны Марат диэн киһи сүгэ сылдьар. Ыллык устун субуруһан хааман иһэллэр. Газитулла Марат кэнниттэн хааман иһэн бүдүрүйбүтэ буолаат, саатын көннөрбүттүү туттан иһэн, эмискэ Мараты көхсүгэ ытта. Саа тыаһа түптэ сааллан киһи көхсүн хараҕар, буулдьа түһэн “дьэллэс " гыннарда. Киһитэ умса туруйалаата. Ону кытта Герасим биир нууччаны, быһаҕынан кэйгэллээтэ. Икки киһини дьууктаан бараннар суолларын сотунаары , төттөрү өрүһү туораабыттара. Билигин бу салгыы ханна баран, көмүстэрин ханна кистииллэрин быһаарына сатыы олороллор. Кинилэри тыа быыһыттан, икки харахтар кэтииллэрин сэрэйбэттэр.
Бэргэн икки саалаах киһи хаһан ханна тохтоон утуйалларын ,эбэтэр сааларын дьалты ууралларын кэтиир. Сыҕарыйдахтарын аайы ,үөмэн батыһан истэ. Тугу кэпсэтэллэрин улаханнык өйдөөбөт. Арай отур ,ботур " Газитулла, Герасим " диэн ыҥырсалларын истэр. Кэнники амбаардыы охсуулаах ,ханнык эрэ иччитэх үүтээҥҥэ кэллилэр.Көмүстэрин таһыгар ууран, иһигэр киирдилэр. Бэргэн үөмэн кэлэн үүтээн кэннигэр турда. Чыпчылыйыах түгэнэ арааһы бары токкуйдаата. Сүүрэн тиийэн көмүстээх ботуоҥканы харбаан ылан сүүрэн хаалыан саныыр. Оннук буоллаҕына,
Бэргэн бэдэр кыыл курдук үөмэн үүтээн ааныгар чугаһаата. Илиитигэр чиргэл тоһоҕо тута сылдьар. Тэлэччи аһыллыбыт аан кэннигэр турда. Халыахсыттар сааларын дьиэ иһигэр хаалларан тахсан кэллилэр. Кэннинэн турар кэмнэригэр биирдэстэрин кэтэххэ сырбатта. Киһитэ " һыхх!” диэтэ да хараҕын өҥүргэс курдугунан көрбүтүнэн умса баран түстэ. Герасим түҥ хааһаҕы бырахпыттыы түспүтүгэр Газитулла соһуйан хайыһа түстэ. Бэргэн иккиһин охсубутугар Газитулла харытын тоһуйан биэрдэ уонна Бэргэни уолугуттан ылан булгу сөрөөн түһэрдэ. Модьута диэн сүрдээх эбит, уолу муомахтаата. Бэргэн үрүҥ күнэ харааран барда, мөхсө сатыыр даҕаны ытарчалыы ылбыт илии хам ылбытын ыһыктыбат. Уол хараҕа дьиримнээн харыйалар төбөлөрө, эккирэһэр курдук буоллулар. Ууга түһэн эрэр киһи оттон тутуһаары тарбачыһарын курдук этэрбэһин оһуттан быһаҕын ороото. Күн хараарар ,күһэҥэ быстар кэмигэр киһини өлөрүөм диэн токкуй суох. " Тыын тыыҥҥа харбас!” Бэргэн хостообут быһаҕынан баттаан сытар Газитулланы ойоҕоско кибиһиннэрдэ. Татаар уҥуохха харбыт ыттыы " хых! хых!" - гынна. Ол кэмҥэ уол иккиһин ,үсүһүн ньим гыннартаата. Сытыы быһах төбөтө, иҥсэлээхтик кибиргэппитин кэннэ татаар ,икки дьабадьытыттан хаана сынньылыйан уол сирэйигэр таммалаан үрдүгэр налыс гынна. Бэргэн ыарахан ыйааһыннаах киһи баттаан сытарын нэһиилэ туора хаһыйан таҕыста. Төбөҕө охсуллан дөйөн сыппыт Герасим мээнэнэн көрөн баһын буккуйар, тобуктаан олордо. Ол кэмҥэ Бэргэн Газитулла тирии курун сулбу таһыйан ылан Герасимы илиитин кэлгийдэ. Татаар Газитулла арбайбыт бытыга, сирэйэ бүтүннүү хаан буолан ,халлаан диэки көрбүтүнэн ,илиитин быластаабытынан, өлөн тыыллан сытара уол көрдөҕүнэ дьулаан көстүү этэ. Герасим дьэ өйүгэр кэлэн Бэргэҥҥэ ааттаһан элэ - была тылын таһаарда. " Уол өйдүүрүнэн " Ити көмүһү барытын ыл ,миигин өлөрүмэ " - диэн көрдөһөр. " Эһиги бэйэҕит мин дьоммун өлөртөөбүккүт !" диэн илиитин көмөтүнэн ,уонна нууччалыы билэр, тылларынан быһаара сатаата. Хабарҕатын быһа сотон көрдөрөр. Онуоха биирдэһэ " Билигин мин дьонум кэлиэхтэрэ уонна баскын быһыахтара!" - диэн төттөрүтүн өйдөөн эбии иэдэйдэ. Онуоха эбии уол үүтээнтэн бэрдээни тутан тахсыбытыгар, атаҕар сытан ааттаста. Уол бу киһини хайыан токкуйдуу олордо.
Бэргэн Герасимныын кытылга киирдилэр. Таһаҕаһын сүктэрэн киирэн баран уол тыыга олорсон анньынан кэбистэ. Киһитэ кытыл устун саллырдыы турда. Дохсун сүүрүк элэҥнэччи устар. Ханна эрэ борокуоттар буруолара унаарар. Элиэнэ эбэ эккириир долгунугар, тыыраахылар усталлара күн уотугар ирбинньиктэнэ оонньууллар. Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа, кураан күн туоһутугар элиэ тахсан элиэтиир, кулуннуу кистиир. Бэргэн устан иһэн оҥочоҕо сыта түһээри ,утуйан хаалбыт эбит. Уһуктубута балаччаны таҥнары түспүт. Кытылга тиксиэхчэ буолбутун, чиэс маһынан үөс диэки анньынан кэбистэ. Кытылга дьонноох сир көһүннэҕинэ, тохтообокко ааһан иһэр. Ардыгар тохтоон мас көтөрүн ытан үтэн сиир. Оннук биирдэ улар түспүтүн ытаары үөмэн истэ. Улар ханнык маска түспүтүн ытаары олоотуу турдаҕына ,бэрдьигинэ быыһыттан, бүүчээн тахсан кэллэ. Киһи сытын ылан хантаарыҥныы турдаҕына түҥнэри ытан түһэрдэ. Ону кытта быыһаммыт улар кынатын тыаһа сурулаан көтө турда. Уол булдун астаан, быарыттан сиикэйдии сиэтэ. Ордугун тыытыгар илдьэн тиэйдэ. Айаннаабыта төрдүс күнэ. Уол бүгүн эмиэ кытылга тигистэ. Ботуоҥкалаах көмүһүн кистээн баран ,эмиэ туоҕу эмит ытаайабын диэн кэрийэ түстэ. Арай биир балаҕан баарын көрдө. Дьону көрсүбэтэҕэ ыраатта. Ханна кэлбитин Аанньаах төһө ырааҕын ыйыталаһан билээри, чуҥнаан баран балаҕаҥҥа киирэргэ сорунна. Чугаһаабыта тиэргэҥҥэ сэргэҕэ ала ат бааллан турар. Мас иэччэхтээх балаҕан аана ынчыктаан эрэрдии кыыкынаан аһылынна. Киирбитэ оҕонньордоох эмээхсин олороллор. Эмээхсин уолу алларааттан үөһээ одуулаата. Оҕонньоро киһи киирдэ диэн кыһаммакка көмүлүөк оһох иннигэр, олорон хамсатын соппойор.
Дьиэлээхтэр кэпсээҥҥит - уол хайыан билиминэ тэпсэҥнии турда.
Суох эйиэнэ - эмээхсин уолга талах олоппос биэрдэ - Оҕонньоор ыалдьыт кэллэ дии - диэтэ эмээхсинэ.
Көрөбүн ээ - оҕонньор түҥнэри хайыһан олорон чөҥөчөгү эргиппитии дьэ түөһүллэн уол диэки иннинэн буолла - кэлэн иһэрин баарыан миэхэ биллэрбиттэрэ - диэн оҕонньор уоттаммыт хараҕынан уолу ,өтөрү - батары көрдө.
Кимнээх биллэрбиттэрэй? - уол долгуйбутун биллэрбэккэ гына сатыырдыы ыйытта. Араас санаа элэҥнээтэ. " Ама ким тыллаабыта эбитэ буолла?"
Суордарым - диэт оҕонньор күлэн кыччыгынаата. Бэргэн онно эрэ өйдөөтө, ойуун дьиэтигэр киирбитин. " Ааһа турбакка киирээччи буолан " диэн уол кэмсинэ санаата. Ону сэрэйбиччэ оҕонньор.
Эмээхсиэн ыалдьыты чэйдэт - диэбитигэр эмээхсин сандалытыгар эт , собо , дьуухала уурда. Бэргэн ахтыбычча арыылаах лэппиэскэни тото мотуйда.
Хайа диэки айаннаатыҥ нохоо?
Өрүс таҥнары Аанньаах диэки түһэн иһэбин төһө ырааҕа буолуой.
Чугаһаабыккын аҕыйах көс хаалбыт. Хантан кэлэн иһэҕин?
Бодойбо диэкиттэн… үлэлии сырыттым.
Көмүскэ дуо?
Оннук.
Ити кыттыгастаргын " ийэлээҕэр ,аҕалааҕар “ыыттыҥ дуо? - оҕонньор эмиэ хараҕа уоттана түстэ. Бэргэн соһуччу ыйытыыттан бөтө бэрдэрдэ. " Бу оҕонньор манна олорон, хайдах билэрэ буолла. Дьоҥҥо тыллаабат ини “- Бэргэн уол салынна.
Оҕонньоор сүгүн буол эрэ , ыалдьыты түүрэйдээмэ. Сыыйа сонунун кэпсиэ буоллаҕа дии - эмээхсинэ эппитигэр Түүрэй Ойуун күлэн тииһэ орсойдо.
Чэ ити хааллын. Уонна Бодойбо диэки туох сонун баар? - Түүрэй Ойуун эмиэ киһи киһитинэн буола түстэ.
Улахан сонун суох. Мин Бодойбону көрбөтүм даҕаны. Үксүн тыаҕа үлэлии сырыттым.
Көмүс бөҕөнү хостоотоххут дии?
Син үлэлэспиппит этэ даҕаны , көмүспүтүн аара түөкүттэр түбэһэн халаабыттара - Бэргэн эппитигэр оҕонньор итэҕэйбэккэ тургутардыы көрдө. Онтон эмиэ да саарыыр курдук саҥарда.
Ол иһин даҕаны хаан сыта кэлэр этэ. Ол аата тыыҥҥын тэскилэттэҕиҥ дии.
Оннук - Бэргэн бу дьиэттэн тахса охсуон баҕарда. Түүрэй Ойуун барытын өтө көрө олорор курдук. Ол кэмҥэ хаппахчыттан уһун суһуохтаах ,көмөрүнэн биспиттии хаастаах ,сырдык сэбэрэлээх кыыс таҕыста. Уолу көрөн симиттэн таһырдьа таҕыста.
Ити биһиги күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыспыт. Ньургуһун диэн ааттаах - Эмээхсин эппитигэр уол, туран тахсан барыах санаата симэлийдэ.
Бу диэки мас көтөрө биллэр дуу? - уол бүрүүкээбит чуумпуга таах олоруохтааҕар ыйытта.
Хара тыаҕа бочугурастар, бэскэ улардар балай эмэ бааллар.
Айаҥҥа өйүө оҥостоору ити…
Ыксаабат буоллаххына хонон бар. Кулааһай да кудулуур кэмэ. Курааҥҥа киирэр. Уонна күлүмэнтэн тэһииркээн, тайах даҕаны күөл кытыытыгар сытааччы. Эдэр киһи тыаҕа тахсан, чээччэйэн киирдэҕиҥ дии. Байанайыҥ тосхойдоҕуна, аранан биһиги даҕаны өл хабыа этибит. Хара сиэбэтэхпит ыраатта.
Ээ оттон мин ханна ыксыахпыный. Хонон баран, кырдьык тыаҕа тахса сылдьыллара дуу - диэн Бэргэн дьэ тыл тылга , киирсэн эрэллэриттэн үөрэ санаата. Таһырдьа тахсан олоро түстэ. Ньургуһун кэлэн ааһан иһэн , кыбыстан уолу “кылап” гынан көрөн ылла. Имин хаана кэйэн ,иэдэстэрэ кытаран обуйук уостарын сэгэтэн мичээрдээтэ ,уонна дьиэтигэр киирэн хаалла. Уол кыыһы кытта көрсүһүүттэн, маннык долгуйа илик буолан, саҥата суох имэрийэ көрөн хаалла.
Бу кэмҥэ Герасим биир ханнык эрэ киһилиин, тыынан устан кэлэн иһэллэр. Герасимнаах Газитулла биир да күн үлэлээбэккэ гынан баран, соҕотохто байа түспүттэрэ. Көмүстэрин ханна илдьэн туттаралларын саныыллара. Ыра санаалара элбэх этэ. Харахтарыгар ойуулаан көрдөхтөрүнэ, кабагы кинилэр баһылыыллар. Кырасаабысса дьахталлар барыта кинилэр гиэннэрэ. Ол ыра санаалара туолбатаҕа. Үүтээнтэн, тахсан истэхтэринэ кэтэҕэ ньиргийэ түспүтэ. Сирэ халлаана эргийэн ,дириҥ далай хараҥаҕа ньимис гыммыта. Төһө өр сыппыта буолла. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ Газитулла хаан - билик буолан өлөн тыыллан сытара. Киниэхэ төбөтүгэр саа уоһа, тымныынан хаарыйан , эт этэ барыта дьырылыы түспүтэ. Үрүҥ тыынын өллөйдүүрэ, абырыыра таҥара эрэ хаалбыт курдуга. Герасим саалаах уолтан ааттаһан, элэ - была тылын эппитэ. Саха сахата өтөн бадаҕа аһынан тыыныгар турбатаҕа. Иккиэн иин хаспыта буолан, Газитулланы кистээбиттэрэ. Саха буолан сиэри тутуспута буолар буоллаҕа, кинилэр көмүсчүттэри ыт курдук ытыалаан хаалларбыттара, онтон аньыылара харалара өтөн, бэйэлэрэ оннук кэби кэттэхтэрэ. Герасимы кытылга хаалларан уол көмүһү барытын тиэнэн барбытыгар Герасим абатыйа ,муҥатыйа хаалбыта. Онтон билэр киһитин булсан ,сороҕун борокуотунан ,онтон бу тыынан устан , көмүһү күрэппит уолу ир суолун ирдээн, тор суолун тордоон иһэллэр.
Бэргэн
Түүрэй ойуун балаҕаныгар ,икки нуучча киирэн кэллилэр. Кинилэри кытта үксүн эмээхсин билэр тылынан балкыйан кэпсэттэ. Түүрэй ойуун дьүлэй киһилии, дьөлө дьуоҕаран олордо. Эмээхсин тылбаастыыр кэриэтэ оҕонньоругар этэр.
Оҕонньоор бу бэһиэччиктэр били Бэргэн уолу ыйыталлар.
Били кэпсэнэр халыахсыттар буолуо. Уолу эппэтиҥ ини?
Ону хантан билиэхпиний! эттэҕим дии. Тыаҕа барбыта диэтим.
Ону туох диэтилэр бу көҕөччү көрбүттэриҥ?!
Күүтүөхпүт - диэтилэр.
Оо үлүгэр эбит доҕор. Ол оҕону бу дьон дьууктаан барыыһылар ! - аҕата этэрин быыс кэннигэр истэн олорбут Ньургуһун тахсан кэллэ.
Оо. Добрый день красотка. Оказывается у вас красавица дочка есть да? Или внучка - диэн биирдэстэрэ Ньургуһун тахса истэҕинэ эттэ. Ньургуһун тахсан Бэргэн барбыт суолунан баран истэ. Өлөрүөхсүттэр кэлбиттэрин уолга сэрэтэр санаалаах.
Бэргэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн - көтөн Ньургуһуннаах олорор алаастарыгар чугаһаан истэҕинэ, кыыс утары кэлэн иһэр.
Бэргэн куота оҕус! Саалаах дьон эйигин көрдүү сылдьаллар.
Бай ол кимнээх?
Билбэтим, ханнык эрэ нууччалар.
Хастарый?
Иккиэлэр - кыыс эппитигэр Бэргэн сүгэһэрин түһэрэн ,чөҥөчөккө олорон токкуйдуур.
Чэриий ыксаарыый Бэргэн билигин кэлиэхтэрэ дии.
Мин кинилэртэн куттаммаппын. Мин эйигин сүтэриэм диэн куттанабын. Мин тыанан быһа киирэн ,тыыбар олорон таҥнары түһэ туруохпун син. Оччоҕо уонна эн биһикки хаһан көрсүөхпүтүй?
Билбэтим - кыыс ууламмыт харахтарынан эмиэ да саараабыттыы туттан турда - оччоҕо саатар саһан эр.
Чэ саатар дьиэҕэ бу эккитин чугаһатыам. Бастаан баран чугаһыы түһэн, чуҥнаан көрүөм буоллаҕа - диэтэ. Иккиэн хаамсан истилэр.
Бэргэн ол эн ханна олороҕун? Төһө ыраах бааргын?
Аанньаах сиригэр.
Ырааппытыын.
Ньургуһун мин ыксаабаппын ээ. Мин эн аттыгар, баар буолуохпун баҕарбытым этэ. Эһиэхэ оттоһуом дии санаабытым - уол эппитигэр кыыс махтаммыттыы көрдө.
Мин эмиэ эйигин …- диэн иһэн кыбыстан ситэ саҥарбата. Саалаах дьон манаан олорор диэтэххэ уол кыһамматын, куттамматын сөҕө санаата. " Тапталлара диэн
Герасим кыыһы күүтэ сатаан баран ,суолун батан, баран истэ. Тохтоон иһиллээтэ. Арай кимнээх эрэ, ботур - итир кэпсэтэллэр. Өйдөөн көрбүтэ били кыыстаах уол кэлэн иһэллэр.
Балаҕаҥҥа кэлбиттэрэ иккис нуучча ,ханна эрэ суола сойбут. Бадаҕа атахха биллэрбитэ эбитэ дуу, эбэтэр аара чуҥнаан көрөн, кинилэр быһылааннарыттан дьаадьыйан , Герасимы булсубут буолуон син. Ол эрээри Бэргэн ,син биир сэрэҕин сүтэрбэтэ. Эмээхсин эмис тайах этин олгуйга лыгыччы буһаран кэбистэ. Ньургуһун билигин хаппахчытыгар кирийэн сыппат. Тахсан ийэтигэр көмөлөһөн букунайар. Бэргэн диэки истиҥник “кылап” гына көрөн ылар. Түүн били ороспуойдар биллибэтилэр. Сарсыарда чэйдээн баран Түүрэйи кытта Бэргэн тайахтарын этин, баран ыырдан аҕаллылар. Бэргэн бу ыалга, хас да күн өрөөн оттосто. Аҕыйах сүөһүлэригэр кыстыыр отторун булуннулар. Бэргэн бастаан көмүһүн ханна илдьэн туттарарын, тугу гынарын токкуйдаан ону эрэ санаа - оноо оҥосторо, билигин өйө санаата барыта Ньургуһуҥҥа буолан, көмүһүн туһунан умна быһыытыйбыт.
Ньургуһун чэ мин дойдулуурум кэллэ. Уонна хаһан көрсүөхпүтүй?
Билбэтим мин түҥ тыа кыыһа, хантан быһаарыахпыный. Эн киэҥ сиргэ тиийэн умнар инигин.
Тоҕо умнуохпунуй, умнуом суоҕа - уол кыыһы кууһан уураата. Ньургуһуҥҥа хаһан да буолбатах, дьикти абылаҥнаах итии сүүрээн иилии кууста. Уолга бүүс бүтүннүү бас бэриннэ.
Бэргэн айаҥҥа турунаары бэлэмнэннэ, кистээбит көмүһүн чугаһаппыта. Ньургуһун өрүскэ киирэн уолу атааран биэрдэ. Элиэнэ эбэ ,дохсун балхаанын тохтотон чуумпурбут. Сиэркилэ курдук ньууругар уйдаран, Бэргэн тыынан уста турда. Ньургуһун далбаатыы хаалан, ыраахха дылы батыһан көстүбэт буолуор дылы көрөн турда.
Кэм кэрдиис түргэнник элэстэнэр. Уол барбыта уонча күн кэнниттэн, Ньургуһун өрүскэ киирэн сэмээр Бэргэнин кэтэһэр. Үчүгэй да күннэр ааспыттар, Ньургуһун ийэлээх, аҕатынаан оттуулларын сылаарҕыыр аҕай этэ. Хотууртан, кыраабылтан ,атырдьахтан ытыстара хабыллан тахсара. Ол иһин от кэмэ кэллэҕинэ, ыараханнык көрсөллөрө. Билигин Бэргэн кэлэн көмөлөһөн өр гымматылар. Ньургуһун Бэргэнниин мэлдьи да оттуу сылдьыан баҕарар курдуга. Ол курдук күннэр түргэнник ааһа охсубуттара. Тайахтарын этин тото - хана сиэн сороҕун, сайын аһааҕырыа диэн билэр дьонугар бэрсибиттэрэ. Кыыс уолу сөбүлүөн быатыгар, бары өттүгэр дэгиттэрэ, үлэни кыайара - хоторо. Булт кинини сырса сылдьар курдуга, бүүчээни, мас көтөрдөрүн, улары ,куртуйаҕы, бөчүгүрэһи таҕыста да ытан киллэрэрэ. Онон кини баарыгар астарынан тутайбатахтара.
Кыыһа өрүһү манаан эрэйдэнэрин көрөн, ийэтэ аһынан уолу умнарыгар баҕарара.
" Тоойуом кэпсэтиилэриттэн иһиттиҥ ини. Ити уол тайҕаҕа үлэлээн кэлэн иһэр, көмүһэ элбэх
Ийээ эн аҕабын кытта хайдах холбоспуккутуй?
Ол аата ?оттон ыал ыал курдук…
Суох ону эппэппин. Бэйэ бэйэҕитин таптаһан холбоспуккут дуо? - кыыс ытаан иэдэһинэн сүүрбүт хараҕын уутун, сиэҕинэн хаһыйар.
Туох таптала кэлээхтиэй тоойуом, төрөппүттэрбит икки өттүттэн сүбэлэһэн, хаһан да харахтаабатах киһибин аҕалан холбообуттара да бүппүтэ. Иккиэн түөрт уоммутугар холбоспуппут ,онтон ыла син эн мин дэһэн олороохтуубут.
Ийээ ол аата эһиги таптал диэни билбэккэ, мээлэ холбостоххут дии. Сааһыран эрэллэр диэн холбуу оҕустахтара. Онтон миэхэ итинник этэриҥ, билбэт буолан ,бэйэҕэр чэпчэки миэхэ ыарахан.
Оттон ити өрүскэ күн аайы киирэн күүтэҕин быһыылаах дии. Оҕом эрэйдэнэрин көрөн, аһынан этэбин дии тоойуом. Син биир кэлиэ суоҕа, оччоҕо эбии эрэйдэниэҥ.
Итинник диэҥҥин мин санаабын эбии кэбирэтэҕин! - Ньургуһун оронугар эмиэ умса түстэ.
Элиэнэ эбэ дохсун долгуннара эҥсиллэр. Кыһыл мыраан кылдьыытын кэнниттэн, өгөрөҥ ардах хара былыттара устан таҕыстылар. Сүллэр этиҥ сааллан дьигиһиттэ. Силлиэ түһэн силлиэрдэ, буурҕа түһэн бурҕатта. Этиҥ лүһүгүрүүр эмиэ да, киһи куйахата күүрүөх, тааһы тааска аалардыы хачыгыратта. Ардах ыаҕастаах уунан ыһардыы кутта. Бэргэн тыыта айаас аттыы мөхсөн, өрүтэ түллэҥнээтэ. Кытыл диэки эрэйинэн эрдэн чугаһаата. Оргуйан будулуйа сытар Элиэнэ эбэ үөс диэки, мэҥиэстэ сатыырдыы тардар. Онтон буруйа сытар эҕэлээх сиргэ кэлэн, тыыны эргитэн кытылга бырахта. Бэргэн таҥаһа илийэн ,ыттыы титирээн тииһэ тииһигэр ыпсыбат буолла. Тыаҕа тахсан хаххаланна. Таҥаһын ыктан куурдунна. Халлаан сарсыарданан былыта халлан ,ырааһыран күн мичиличчи тыкта. Бэҕэһээ силбиэтэнэн, дапсыммытын мэлдьэһэн кэбиспит.
Ол курдук айаннаан Бэргэн Аанньаах куоратыгар тиийбитэ. Көмүһүн тыаҕа кистээн, түөрт гыммыт биирин илдьэ кэлбитэ. Баһаарга тиийэн дьонтон ыйытан туттарбыта. Сиэбэ хачыгырас харчы буола түспүтэ. Сороҕо баппатаҕар көмүс туппут киһи, халаабыс курдук тирии мөһөөччүк биэрбитигэр онно уктубута. Саатар кумааҕы харчыта тоҕо улахаттарай ,киһи ытыһын сабырыйар. Бэргэн дьоҥҥо биллэрбэт гына туттан уулусса устун, баһаарга тиийбитэ. Дьон ас таҥас эгэлгэтин атыылыыр эбит. Табаардарын батараары уолу итиннэ тардаллар, манна ыҥыраллар. Бэргэн Ньургуһунугар таҥас бөҕөнү атыыласта. Бэйэтэ эргэ таҥастарын устан ,ытыар дылы маанымсыйда. Сиэркилэ диэннэригэр көрүнэн ,этэргэ дылы бэйэтин нэһиилэ биллэ. Ньургуһунугар тутаахтаах төгүрүк сиэркилэ атыыласта. Дьахтарга туох киэргэл баарын, барытын сыҥалаан атыылаатылар. Этиэҥ эрэ кэрэх тылгыттан ыйааста түһэллэр.Уол харчылааҕын билэн араас дьон, билсиһэ куомуннаһа сатаатылар. Хаартыга ыҥыран хаайаллар. Хата биһиги дьолбутугар, сүрүн дьоруойбут хаартыны сатаабат буолан биэрдэ.Хаартыга умайбыт элбэх. Бадаҕа баай уол сылдьар диэн, нуучча чэпчэки кыргыттара, уолбутун кабакка илдьэ сатаатылар. Биһиги уолбут кыккыраччы батынна. Куорат дьалхааннаах дойду эбит диэн салынна. Тыаҕа дойдутугар тахса сылдьан баран , Ньургуһунугар барар санаалаах. Кытылга сайыһа көрөн хаалбыт, чох хара харахтары санаатаҕына ,ыксаан киирэн барар. Тиийдэҕинэ сүгүннэрэн аҕалар санаалаах. Харчылаах буолан баран дьиэни оҥостон эрэйдэм эккэ, атыылаһан ылар санаалаах. Таптыыр сэгэрин Ньургуһуну сиэтэн илдьэн, ханнык дьиэни ылалларын талларыа. Түҥ тыа кыыһа самнайбыт балаҕантан ураты, маннык улахан таас түннүктээх, ампаардыы охсуу эркиннээх, дьиэлэри көрө илик буоллаҕа. Бэргэн уол ыра санаатынан кынаттанан, ыллыан туойуон баҕаран кэллэ.
Ньургуһун бүгүн эмиэ кытылтан таҕыста. Элиэнэ эбэ киэҥ киэлитин ньууругар ,тус хотуттан былахы саҕа туох эрэ устан иһэрин өр даҕаны күүппүтэ. Онто атын оҥочолоох дьон буолан биэрбитэ. Сороҕун бэчимэлээн айаннаан, өрүһү өксөйө турбуттара. Биир күн кинилэргэ Токоорой оҕонньор уолунаан кэлбиттэрэ. Ыйаастыгас харахтаах ,халыҥ иэдэстээх уол Ньургуһуну көрөн ымах гынара, батыһа көрөн хаалара. Олорон эрэ мээнэ күлэн ,сыһыгыраан барыан аҕата “ходьох” гыныар диэри ойоҕоско анньара. Ньургуһун хаппахчытыгар сыттаҕына ийэтэ киирдэ.
Тоойуом ыалдьыттары кытта баран
Суох ийээ, мин топпун.
Эйиэхэ кэлбиттэр ээ тоойуом.
Миэхэ тоҕо кэлэллэр, мин ыҥыртаабатаҕым. Мин кинилэри билбэппин.
Эйигин ыйыталлар.
Ыйыппатыннар мин таптыыр уоллаахпын! - кыыс ийэтигэр буолуммата.Токоорой оҕонньор уолунаан ,таһырдьа тахсыбыт кэмнэригэр ийэтэ аҕатыгар эттэ:
Оҕонньоор кыыспыт буолуммат.
Ол кини буолунара буолуммата, көҥүл үһү дуо?! Кыыс оҕо бастаан эрэ итинник буолуо , эр киһи сыһыттаҕына үчүгэй буолуоҕа ! - Түүрэй ойуун кыйахаммыт киһи быһыытынан ,үгэһинэн сэпсигир ньуолах бытыгын, мускуйан барыахтыы, холустук имэриммэхтээтэ. Ийэтэ кыыһын төһө да аһыннар хайыыр да кыаҕа суоҕуттан ,үөһэ эрэ тыыммахтаата.
Тэрэппиинэптэр уоллара мааны таҥастаах ,байан тайан кэлбитигэр үөрүүлэрэ муҥура суох. Бытырыыс курдук кыргыттар, уолаттар сэрбэкэчиһэн кэлэн убайдарын кэһиитин үллэстэллэр. Биир обургу уоллара Куллуруут баайга оттоһон ,ат сиэтиэх буолан курупчаакы бурдук ,көрдүү барбыта да мэлийэн кэлбитэ, хата убайа Бэргэн байан - тайан кэлбит эбит. Бэргэн ыал улахан оҕото. Элбэх оҕолоох дьадаҥы ыаллар.
Убаай эн үлэлээн харчы оҥордуҥ дуо?
Биһиэхэ аспыт мэлдьи баар буолар дуо?
Уонна ыалтан умналаабат инибит, кыбыстабын - онтон мантан ыйытык элбээтэ.
Суох умналыаххыт суоҕа - ыран харахтара эрэ чоҕулуһар балыстарын, сурдьуларын аһынан Бэргэн хараҕын уута ыган кэлбитин ,көрдөрүмээри түҥнэри хайыста. Ийэлээх аҕата уолларын үөрэ көрүстүлэр эрээри, истэригэр тоҕо эрэ ытырыктата санаатылар. “Тэрэппиинэптэр уоллара хантан эрэ байан кэлбит. Кыттыгастара сураҕа суох сүппүттэр. Бадаҕа дьыала иһэ хараҥа…” " Куоракка дьиэ ылыммыт үһү “диэн сурах нэһилиэги тилийэ көттө. Устунан нэһилиэк кинээһин кулгааҕар тиийдэ. Баайдар мустаннар : " Көр да маны ханнык эрэ кумалаан хантан хайдах эмискэ байда?!” . " Кыттыгастарын ханна гынаттаабытын ыгыахха !" " Бэйи куоракка тыллаан дьыалата тэрийиэххэ “- диэбиттэрин чаччыына кэпсээбитэ этэрбэс тыастара онно - манна тибигирэһэн тарҕата оҕустулар.
Токоорой оҕонньор уолунаан эмиэ хонор буоллулар. Ньургуһун аралдьыйаары эмиэ өрүскэ киирдэ. " Бэргэн кэлэ охсоро буоллар, баҕар туох эмит уларыйыы тахсыа этэ. Бу дьон араҕыа суохтар. Саатар ийэм да миигин өйдөөбөт " - Ньургуһун киирэн эрэ күн уотугар, мэндээрэр Элиэнэ эбэтин көрөн туран саныыр. Ол турдаҕына Токоорой уола Бэдирик кэллэ.
Судаарынньа траттуччи баар ! - диэн малах гынан абаҕыыты үтүктэн нууччалаабыта буолла. Аҕата кинини биир судаарыскайга, үөрэтэ сылдьыбыта баара. Уол итинник саҥалаах дьон үрдүк сололоох, курдук көстөллөрүн курдук саныыр. Ньургуһун уол ити быһыытыттан күлэн мичик гынна, онуоха Бэдирик " кыыс мин кэлбиппэр үөрдэ " дии санаата.
Эрэкаа ырыыба манога дуу?
Балык эрэ эгэлгэтэ ини. Сэмсииллэр дии оттон.
Майаа таам ырыыба пайымаал - диэн хой баһын кэпсээн нууччалаабыта буолар. Аҕабыты үтүктэн " чыырк !” гына силлиир , кыыс аттыгар мөтөһүйэ хаамыталыыр.
Моя это кто? Однако у тебя есть девушка? Тогда почему кнам пришел? - кыыс соруйан ыраастык нууччалаан өссө да элбэҕи эппитигэр, Бэдирик хараҕын муҥунан көрдө. Кыбыһынна. Түҥ тыа быыһыгар олорор кыыска нууччалаан үтүөтүк көстүөм диэбитэ, кыыһа кимнээҕэр нууччалыы ыраастык элбэҕи саҥарда.
Эн..эн хантан нууччалыы билэҕиний?
Ийэм үөрэппитэ. Куорат сиртэн төрүттээх.
Ээ сөп - Бэдирик нууччалымсыйбыта суох буолла.
Оҕолор убайдара байан - тайан кэлбитигэр үөрбүттэрэ аҕай. Ол үөрүүлэрэ уһаабата, дьадаҥы киһи байбытын баайдар сөбүлээбэккэ, ордук санаан мирэбиэй судьуйаҕа үҥсүбүттэрин, икки хорохоот кэлэн Бэргэни Аанньаах куоракка тутан киирдилэр. Ис дыала сандаарыма (жандарм) Бэргэни доппуруостаата. Уол нууччалыы мөлтөхтүк да буоллар хоруйдаста. Көмүскэ үлэлээн кэлэн истэхтэринэ, ороспуонньуктар сабы түһэн халаабыттарын, икки кыттыгаһын өлөртөөбүттэрин кэпсээтэ. Кэнники бэйэтэ иэстэһэн, көмүһүн төттөрү ылбытын, ону сойуолуулларын кэпсээбэтэ. " Көмүскүн халаабыт буоллахтарына хайдах байдыҥ ?" - диэн ыйытыкка. " Ороспуонньуктар үллэстибиттэрин кэннэ биир киһи, бэйэтин өлүүтүн кистээбитин, тыаҕа чуҥнуу сылдьан булбутум. Бэйэм үлэлээбит көмүһүм буоллаҕа дии" - диэн уол арыый ханарытан кэпсээтэ . Сандаарым уолу итэҕэйбит курдук буолла эрээри, босхолообото. Эрэһээҥкилээх хосхо хаайан, хатаан
Эһиги биһиэхэ туох соруктаах кэллигит ? Туох кыһалҕата кыпчыйан аҕалла? - Ньургуһун Бэдириктэн ыйытар.
Отто…отто аҕам эйигин кэргэн ыйыта … - Бэдэрик килиэр - халаар көрүтэлиир.
Өссө аҕаҕар диэ ?
Суох аҕам эйигин миэхэ ыйыта.
Оттон бэйэҥ кыайан ыйыппаккын дуо? - кыыс көрдөҕүнэ Бэдирик наһаа күлүүлээх - сааһыҥ хаскыный?
Мин доо?
Эн доо!
Отут ордугуна биэс - Бэдирик туоҕу эрэ суоттаан эрэр атыыһыт курдук, уон тарбаҕын саратын ааҕан эрэрдии туттар.
Итиччэ саастаах эрээри аҕаҕынан ыйыттараҕын дуу , бэйэҥ тылыҥ суох дуо? - кыыс күлэн иһэн айаҕын сабы туттар.
Оччоҕо бэйэм ыйытабын дуо?
Ыйыт.
Эн миэхэ ойох тахсыаҥ дуо?
Суох!
Тоҕо?
Бэйэм таптыыр уоллаахпын.
Кини кимий? - Бэдирик оонньуурун былдьаппыт оҕо курдук сирэйэ мэрбэҥнээтэ. Дьэбин уоһуйда.
Ону бэйэм эрэ билэбин.
Ол таптал диэн туохпутуй эмиэ?! Дьон таптаспакка эрэ ыйытан баран, холбоһон олороллор дии - Бэдирик булдун ытаары ,кыҥаан эрэр киһи курдук кыыһы одуулаһар.
Судаарыскайдар этэллэринэн ол хараҥа быһыы. Киһи ис санаатын билбэккэ, ыллыҥ даҕаны холбооттоон кэбиһэр сиэргэ баппат быһыы.
Холбостоххо ороҥҥо таптаһыы баар буолуо дии - Бэдэрик туох эрэ минньигэһи ыйыстан эрэрдии ,дьүккүк гынар. Уонна кыыска туох баайдаахтарын барытын кэпсиир. Баай туһунан кэпсээтэҕинэ кыыс сөбүлэһиэн курдук саныыр.
Миэхэ эһиги баайгыт наадата суох ! - кыыс дьиэтин диэки хаамта.
Ньургуһун дьиэтигэр кэллэ. Кэнниттэн Бэдирик киирдэ. Киэһээҥи астарын ,чэйдээри олордохторуна, эмискэ үлүгэр икки, сирэйдэрэ бар түү нуучча, сулбу ойон киирдилэр. Биирдэһэ саалаах.
" Стояять! Ни с местаа !" диэн Герасим ,балаҕан өһүөтүн буора саккырыар диэри сарылаата. Токоорой оҕонньор өмүрэн: “Бачах күтүр кыһыл сирэй, күөх харах! Татат күтүр , киэр кэбэлий түү сирэй !” - диэбитинэн ,тайах маһын саа курдук тутан үтүктэн ,өрө тэйиэккэлээн турбутун ,түөскэ кэбэн түһэрдилэр. Бэдирик куттанан титирэстээтэ. Нууччалар Бэргэн ханна баарын ыйыттылар. Онтон Герасим Бэдириги саанан тирээтэ.
А этот еще кто такой? !
Эта йаа. Бришел броста жинаа проси.
Аа жениться пришел на этой красотке? А ну вышли все !! - Герасим дьиэни чүүччэйээри эбитэ дуу, барыларын таһырдьа үүртэлээн таһаартаата. Түүрэй ойуун олорбутун курдук олорор. Герасим ойууну сууллары тардан түһэрдэ. Соһон иһэн көрбүтэ арай, оҕонньору буолбакка уолугунан айахтаах, оройунан харахтаах, илэ абааһыны соһо сатыыр эбит. Герасим оччолооҕу көрөн баран, сарылаабытынан таһырдьа баар буолла. Ойуун хомуһунун киллэрэн хараҕын баайбыт эбит. Нууччалар иккиэн атахха биллэрдилэр.
Токоорой оҕонньор туох буолбутун ,ситэ өйдөөбөтө даҕаны. Онуоха дьиэлээхтэр, ити нууччалар кими көрдүүллэрин быһааран кэпсээтилэр. Токоорой уолунаан хонуохтаах этилэр да, ити ороспуойдар баҕар иккиһин кэлиэхтэрэ диэн тэскилээтилэр. Дойдулуур суолларын туттулар. Бэдирик кыыска иҥээҥниир да, санаата сүппүт курдук буолбут. Аттарын мас көлүөһэлээх тэлиэгэлэригэр көлүнэн, суолга киирэн кыыкырдата турдулар. Мас көлүөһэ туох аанньа буолуой ,уҥунуоҕа суох буолан дьиэ халҕанын аанын иэччэҕин курдук тыаһыыр. Иһийэн турар чуумпуга, тыаҕа өй дуораана эҥсиллэр. Барбахтыы түспүттэрин кэннэ суолга арай, били баарыаҥы нууччалар тураллар. Бэдирик бастаан көрдө " Уоспадьыы памыылый !" - диэн ботугураан баран кириэстэннэ.
Аҕаа эмиэ өмүрээйэҕин эрэ, били баарыаҥы бэһиэччиктэр суолга тураллар - диэн аҕатын сэрэттэ. “Эмиэ өмүрэн татакалаан оройго бэриллиэ” дии санаата. Токоорой уола эппитигэр " ходьох !" гынан тэлиэгэттэн охтон иһэн ,уолун санныттан хапсан ылла.
Стой тррр .вы куда путь держите ?! - Герасим аты тэһииниттэн харбаата. Ат сирэйэ бар түү киһиттэн тэһииркээн хаһыҥыраан ылла. Кулгааҕын чөрөҥнөтөр.
Нохоо дьэ үөрэхтээҕимсийэҕин аҕай дии. Ити нууччалары кытта кэпсэт. Үөрэхтээх оҥорбуппар, өлөр хаалар күҥҥэ, ити тумустартан ,үрүҥ тыыммын өллөйдөө. Күн сирэ күндү. Өссө да сири бааһырда сылдьа түһэр баҕа баар. Нууччалыы билбэппин, " өлөрөбүн " да
Траттуччи трусийаа - Бэдирик бэһиэччиктэр диэки малах гынар.
Бииргэ хонон баран дорооболоспут киһи курдук буоллаххыный? Сүгүн кэпсэт мээнэ ону - маны быктарыма! - Токоорой уолугар ботугуруур.
Что ты сказал ?! Кто трус ? - Герасим “ойуунтан куоппутун күлүү гынар дуу”- дии санаата.
Неээ йаа туруус нэ ыскасаал. Йа трук… трусья (друзья) ыскасаал - диэн Бэдирик көннөрөр. Син өр ылахтаһан Бэргэни ыйыттылар. Аанньаахха барбытын Бэдирик кэпсээтэ. “Биһиэхэ өйүөтэ уонна оҥочото аҕалыҥ !” - диэн бэһиэччиктэр ыктылар. Быстыахтара дуу, ойдуохтара дуу сөбүлэстилэр. Нууччалар аарааҥы дылы тэлиэгэҕэ олорсон барыстылар. Түөрт киһини уйбакка, тэлиэгэ хачыгырыыра эбии улаатта. Нэҥсиэҕэ ыһыллан хаалыах курдук . Ат түҥкүр - таҥкыр суолга ыарырҕатан түллэ , түллэ иннин диэки дьүккүйэр. Түөлбэлэригэр чугаһаан баран, нууччалар хааллылар. " Кинээскитигэр ,кулубаҕытыгар тыллыаххыт да сэрэниҥ !” диэтилэр. Бэдирик диэтиттэн ыһык - өйүө аҕалан биэрдэ.
Я лотка нэ нашел. Таам эрэкаа плот есть - диир. Онуоха нууччалар, сапсыйан баран бардылар. Киэһээ боруҥуйбутун кэннэ кытылтан ким эрэ оҥочотун илдьэ бардылар.'
Бэдирик аҕатынаан дьиэлэригэр кэлбиттэригэр, ийэлэрэ ыйыта тоһуйда.
Дьэ хайдах сылдьан кэллигит ? Оҕом сөбүлээтэ дуо? - лаппычах курдук намыһах суон эмээхсин, түөрэҥэлээн кэлэн холумтаҥҥа өйөнөн туран ыйытар. Кыыс сөбүлэҥэр кыһаммакка уолун сөбүлэҥин ыйытар. Уоллара ааргы да соҕус буоллар, харчы төлөөн үөрэттэрбит буоланнар тэҥнээҕэ суоҕун курдук саныыллар. Ханнык эрэ дьадаҥы кыыска биэриэхтэрин, дьиҥэр баҕарбатахтара. Ойууҥҥа тиийэн хаһан баҕар, эмтэниэх баҕатыгар эрэ сөбүлэспиттэрэ.
Сириллэн кэллим ийээ - Бэдирик тигээйигэ тиктэрбит киһилии, сирэйин мырдыччы туттар.
Хайыаа! ол мин оҕобун сирэр - талар, оннук үлүгэр сытыйа байбыт дуо!? - Эмээхсин барытын баай быһаарыахтааҕын курдук этэр.
Таптыыр уоллаахпын диир - Бэдирик кыра эрдэҕинээҕитинии уоһун толлоччу туттар.
Тапталлаахтар баҕастаахтар, онто - манта суох, сүөһү курдук холбооттоон кэлбиттэрэ. Кэпсээ эрэ оҕонньоор ол хаһааҥыттан, кыыс оҕо барытын быһаарар буолбутай? Эбэтэр эн миигин таптал көмөтүнэн ылбытым диэххин баҕараҕын дуу!?
Тугу туойа олороҕун нойоон, отон кыыһы кытта өрүстэн, ыттаччы ырбайан тахсыбытыҥ дии - " сириллэн кэллим " диэннээх. Миэхэ тоҕо эппэтэххиний? Мин " үчүгэйдэттибит быһыылаах " дии санаабытым - Токоорой уолугар этэр.
Ол кыыс миэхэ " таптыыр уоллахпын " диэбитэ.
Ол хаһааҥыттан кыыс быһаарар буолбутай? Оттон оҕонньоор Түүрэйи кытта кэпсэппэтэҕиҥ дуо? Оччотугар тоҕо хоно өрүү сыттыгыт?! - ийэлэрэ кыттыһар.
Дьарҕам көбөн ыарыыбын эмтэтээри. Уонна оттон тыыннаах кэлбиппитигэр махтал. Икки ороспуонньуктар сабы түһэн, ыттыы ытыалыы сыстылар.
Бай ол кимнээҕий ? - эмээхсин соһуйар.
Көмүстэн кэлэн иһээччилэр ини, хас бандьыыты билиэхпиний. Тыаҕа чуҥнуу хаалбыттара. Баҕар манна да киирэн кэлиэхтэрэ - Токоорой эмээхсинин куттуу түһээри ,сүрдээн - кэптээн кэпсиир. Эмээхсин киһи эрэ буоллар салынна. Аанын хатаан халыр гыннарда.
Дьэ сатаммакка кэлбиккит.
Ол иһин этэбин дии. Тыыннаах кэлбиппитин иһин, үөрүөххүн билиминэ үөхсэҕин. Кыыс ханна куотуой нам - нум буоллахха баран ыйытыллыа буоллаҕа. Устугас бэһиэччиктэр аһара өр буолбаттар ини - оҕонньоро эппитигэр эмээхсинэ саҥарбата.
Бэргэни Сандаарым, хаамыраттан таһааран доппуруостаабыта. Доппуруос диэн буолуо дуо, кулгааҕар дылы ырбайан отой атын киһи этэ. Бэргэн өйдүүрүнэн бэрик биэрдэҕинэ, босхолуох курдук ымманыйара. Уолга эгэ эрэ маннык наада этэ. Харчы төлөөн түрүмэттэн тахсыбыта. Нэһилиэгин кулубата маны сөбүлээбэтэҕэ , ол эрээри үҥсэригэр үрдүкү суукка Бэргэн төлөөбүтүн саҕаны, кыайан төлөөбөккө суут буолбатаҕа. Бэргэн дьыаланы барытын, харчы быһаарарын өйдөөбүтэ.Баайдаах буоллаххына, суут даҕаны эйиэхэ хаптаҥныы түһэрин билбитэ. Ол иһин Аанньаах куоракка, ураты улахан дьиэни атыыласпыта. Икки эмис аты атыылаһан Ньургуһунугар, айаннаары хомуммута. Ийэлээх аҕата үөрбүттэрэ да, кулуба эмиэ үҥсүө диэн куттаналлара. Убайдара байан тайан кэлээтин оҕолор , ырбыт дьүдьэйбит көрүҥнэрэ сүтэн , сирэйдэрэ харахтара көммүтэ, таҥастара саптара уларыйан үөрүүлэрэ муҥура суох.
Аҕаа эн ити кулубаҕа төһө өр үлэлээбиккиний? Уонна төһөнү төлүүр этэй?
Хайаары гынаҕын ?
Баран быһаарса сылдьыам этэ.
Кэбиис нохоо. Саатар эрэ босхолоотулар, диэн күлүккэр имнэн. Абааһы дьонун кытта аахсыма, биһигини эрэ таарыйбатыннар - аҕалара тойонтон куттана үөрэммиччэ саллар.
Кэпсээ аҕаа куттаныма - уола сирэйэ хараҕа турбутун көрөн аҕата сөхтө. Бэргэн оҕо сырыттаҕына, кулуба аҕаларын сынньан да кэбиһэрэ. Үксүн төлөөбөккө босхо кэриэтэ үлэлэтэрэ. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан эрэ олороохтууллара.
Бэргэн киэһэлик кулуба дьиэтигэр тиийдэ. Хара дьиэттэн хамначчыттар тахсан мааны уолу,сөҕө махтайа көрүтэлииллэр. " Байан кулуба дьиэтинэн эрэ сылдьар буолбут дуу " - дии саныыллар. Сөҕүөхтэрин иһин Бэргэн хара дьиэҕэ киирдэ. Хамначчыттар олохторун ыйыталаста. Онтон кулуба дьиэтигэр киирдэ. Кулуба эһэ тэллэххэ даххаһыйан сытар. Уол киирбитин көрөн ыадастан турда. Өтөрү - батары көрөн самнарыахтыы туттунна.
Туох буолан мин уораҕайбын өҥөйдүҥ?!
Миэхэ туохпун былдьатан сууттаһа сатыыгын?!
Бэйэм билэбин!
Аҕабын албыннаан хас сылы ,босхо үлэлэппиккин билэҕин дуо?! Быһаарсыахха! Сууттаһар буоллаххына сууттаһыах! Нэһилиэги сүгүн салайбат буоллаххына эйигин уһултаран баран, бэйэм олоруом. Өйдөөтүҥ дуо? - Бэргэн оҕо эрдэҕинээҕи атаҕастабылын санаан кэллэ. Хоргуйаары ыксаан бурдук көрдөһө кэлбитин бу кулуба, саҕатыттан таһырдьа бырахпыта эмиэ баара.
Тукаам туох буолан уордайан кэллиҥ? Кэбис бэйэ ыккардыгар иирсимиэххэ, үҥсэ - харса сылдьымыахха. Харах көс мөлтөөбүт..эн..эн эбиккин дуу. Киир аас күндү ыалдьыт буол - кулуба уол эппититтэн чаҕыйан дьүһүн кубулуйа түстэ. Бэргэн “кэпсэтии бүттэ” диэбиттии тахсан барда.
Сарсыныгар “Тэрэппиинэптэр уоллара Бэргэн, кулубаны күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр киллэрэн, үттү күргүйдээн барда” - диэн сурах тарҕанна. " Балык ыамнаах киһи кэмнээх, киһи үрдүгэр киһи баар" . “Кулуба дьон у атаҕастыыра, аньыыта харата таайдаҕа дии “.
Бүгүн Бэргэн эмис акка олорон, айаҥҥа турунна. " Элиэнэ эбэ кытылын устун өрө айаннаатахха тиийэр инибин “- дии санаата . Ол да буоллар үрэхтэр мэһэйдээннэр , сороҕун тыа быыһынан айаннаан истэ. Саҥа атыыласпыт субуйааҥкы саатын сүгэн иһэр.
Ньургуһун эмиэ Бэргэни күүтэн, өрүскэ сырыттаҕына ийэтэ ыҥырда. Кыыс дьиэтигэр киирбитэ эмиэ Бэдирик аҕатынаан кэлбит. Ньургуһун хаппахчытыгар киирэн сытынан кэбистэ. Аҕата киирэн кыыһын Бэдириккэ ойох таҕыс диэн этэр. Кыыстара туох да иһин буолуммат. Түүрэй ойуун кыыһын күүс өттүнэн ,эбэтэр хомуһун көмөтүнэн биэриэн эмиэ да аһынар.
Ол кэмҥэ Ньургуһун ийэтэ таһырдьа тахсыбыта, арай атынан Бэргэн кэлэн иһэр. Эмээхсин утары хааман тиийдэ.
Туохха кэллиҥ? - Эмээхсин билэр да буоллар ыйытта.
Үтүө күнүнэн. Мин оттон кыыскытыгар Ньургуһуҥҥа кэллим. Олус өр күүттэрдим быһыыта. Хойутаан хааллым.
Суох …суох тукаам..төнүн итиннэ кииримэ. Кыыспыт кэргэн таҕыста кэлэн ыйыппыттара - диэтэ. Бэргэн алҕас истибитим буолуо диэн иккиһин ыйытта, хомойуох иһин кырдьык эбит. Бэргэн аат эрэ харата атын төттөрү салайда. Ат ону эрэ күүппүттүү дьоруолаан төбөтө туллаҥалаата.
Бэргэн соторутааҕыта эрэ үөрэн - көтөн испитэ, мэктиэтигэр чыычаах ырыатын иһиллээн дуоһуйа истэрэ. Тулатынааҕы тыата барыта киэркэйэн көстөрө. Билигин барыта дьэки курус буолбут. Хараҕа ууланан күөх харыйалар дьиримнээн көстөллөр. " Кыыспыт кэргэн тахсыбыта” - диэн эмээхсин эппитэ, кулгааҕар ыарыылаахтык хатыланан тэһитэ кэйиэлиир курдук. Уол Ньургуһуннуун хайдах көрсүөхтээхтэрин хараҕар ойуулаан ,ыраланан испитэ баара. Кыыс аҕатыгар муоһунан оҥоһуллубут хамса ,мохуорка уонна ийэтигэр саал былаат уонна да атын кэһиилэнэн тиийэн испитэ.
Бу кэмҥэ Ньургуһун аҕата Токоорой оҕонньор уолугар кыыһын биэрээри олороро. Кыыс аҕатыттан хаһан да ааттаспатаҕын ааттаһан ытыыра - соҥуура.
Токоорой оҕонньор бүгүн эмиэ уолунаан Бэдириктиин, аҥнан - бохтон иккиһин төхтүрүйэн , Ньургуһуну ойох ыйыта бараары айгысталлар. Ийэлэрэ лаппычах курдук, суон эмээхсин хааһаҕы төкүнүтэн эрэрдии хааман түөрэҥэлиир.
Дьэ эмиэ бэйэҕит эрэ төннөн кэлээйэҕит ! Ол бу буолан эриссэн , таптал оонньуур дьон курдук буолумаҥ! Сүрүнэ диэн дьоно сөбүлэһэллэр. Ол кыыс кыҥкыйа диэхтээн. Эр киһини биллэҕинэ түргэнник сыһыйыа. Билигин эрэ кубулҕатырар !
Иньээ оо..оттон мандьыыттар барбыттара буолуо дуо? - Бэдирик ийэтигэр үҥсэн эрэрдии ыйытар.
Эр дьоҥҥут дии бэйэҕитин көмүскэниэххит буоллаҕа. Сэрэххэ сааҕытын илдьэ барыҥ!
Саанан сатаан ыппаппын иньээ. Аҕам үөрэппэтэҕэ дии.
Һуу дьэ бэрт доҕор! Көмүһү сырсыаккалаһар бэһиэччиктэр кими манаан сытыахтарай бардылар ини - дьэ итинник ийэлэрэ атаартаабыта. Бу кэлэн олороллор. Бэдирик саныырынан таптал диэннэрэ бииргэ хоонньоһуу, уоннааҕытын ийэлээх аҕата быһаарыахтара. Күннээҕинэн олорор киһи быһыытынан, ийэлээх аҕата мэлдьи баар буолуохтара диэҥҥэ санаан да көрбөт. " Аҕаа ойохпун аҕаллахпына ханнык хоско утуйуохпутуй?” - диэн аара ыйыппыта. " Бастаан ойохтон ..онтон көстөн иһиэҕэ " - диэбитэ аҕата.
Түүрэй ойуун кыыһын хаппахчытыгар, киирэн баран тахсарын кэтэһэллэр. Токоорой оҕонньор хамсатын соппойбохтуур. Омурда уус күөрдүн курдук хапсыҥныыр. Уоһун орботон буруотун үрбүтэ, төгүрүк халаачык буолан көтөллөр. Ону Бэдирик күлэн тэһи барыахтыы ыгыстар. Уонна төгүрүк буруолары, тарбаҕынан ылыахтыы уунаҥныыр. Ону аҕата тоҥолоҕуттан ,күүскэ тардан " лах!“гына төттөрү олордор. " Оттомноох соҕус буол эрэ !” уолун кулгааҕар нөрүйэн кыбдьырынар. Ол кэмҥэ Ньургуһун хаппахчытыттан сулбу ыстанан , таһырдьа таҕыста. Көрбүтэ алаас саҕатын диэки аттаах киһи баран эрэр.
Ийээ ол ким барданый?
Суох, суох ким да буолбатах.
Бэргэн буолбатах дуо?
" Суох ..суох “- диэбититтэн кыыһа туоҕу эрэ сэрэйдэ. Мастар быыстарыгар, киирэн эрэр киһиэхэ сүүрдэ.
" Бэргээн !” диэн үөгүлээтэ да истибэтэ.
Бэргэн алаастан тэйэн тыа быыһыгар, ханна эрэ Ньургуһун саҥата, кинини ыҥырбыта өй дуораана буолан эҥсиллибитэ. Уол кыыһы мэлдьи саныы сылдьар буолан, уонна аанньа утуйбакка " түлээгирэн бараары гынным дуу " дии санаата.
Ньургуһун тыа быыһынан сылайыар диэри сүүрэн баран, тохтоон чөҥөчөккө олордо. Төттөрү бараары атын суолунан, киирэн хаама турда. Кыыс ыксаан төттөрү - таары сүүрэккэлээн, суолун отой да сүтэрдэ.
Бэргэн таптыыр кыыһын Ньургуһунун, кыайан көрсүбэккэ төннөн иһэн, Түүрэй ойуун кутуруксут уолун утары көрүстэ. Кутуруксут уол, ойууҥҥа кэлэ бара сылдьар. Бэргэнниин көннөрү көрсөн билсэллэр.
Туох кэпсээн
Суох эйиэнэ. Хайа диэки бардыҥ? - Бэргэн уолтан ыйытар.
Ойууҥҥа баран иһэбин. Биир киһи ыалдьыбыт онно ыҥырдылар - Кутуруксут уол ойууҥҥа кыратык да үлэлэһэн айаҕын булунар.
Мин Ньургуһуну көрсө баран испитим этэ. Кэргэн тахсыбыт эбит дии.
Кини дьиҥэр эйигин күүтэр аҕай быһыылаах, өрүстэн арахпат этэ. Ону ити Токоорой баайынан мэҥиэлээн уолугар ойох биэрэ сатыыр курдук.
Күүстэринэн дуо?
Оннук курдук. Оттон эн бачча кэлэн баран тоҕо төнүннүҥ? Ис дьиҥин билиэҥ этэ буоллаҕа - диэбитигэр Бэргэн " Ол иһин даҕаны эрэйдээҕим сыыһа, төһө эрэ күүтээхтээтэ. Баҕар ытатан - соҥотон күүстэринэн биэрэн эрэллэрэ буолаарай. Төттөрү барыахха дуу тугуй?” - диэн саараан баран, Кутуруксут уолу, атыгар мэҥэһиннэрэн төттөрү барыста. Тиийэн иккиэн балаҕаҥҥа киирдилэр. Бэргэн киирээт даҕаны, дьиэлээхтэри кытта кэпсэттэ. Аҕалбыт кэһиитин биэртэлээтэ. Түүрэй ойуун сэлии муоһуттан оҥоһуллубут , мап - маҥан, кып - кылабачыгас хамсаны бэлэхтэтэн олус үөрдэ.Бэйэтин удьурҕайынан оҥоһуллубут хамсата,эргэрэн умайан да бүтэн эрэр. Онуоха холоотоххо бу таас курдук хамса эбит. Урут манныгы нууччаларга көрөн иҥсэрэр этэ. Бэргэн эбиитин мохуорка эрэ баһаамы аҕалбыт. Саҥа саппыйата тиийэ баар. Түҥ тыа сиригэр олорор ыалга бу боччум кэһии. Өрүһүнэн атыыһыттар ааһан иһэн, хам - түм арааһы атыылааччылар да, ол кэмҥэ ардыгар утары ууналлара суох буолан биэрэрэ. Бэргэн кыыстара ханна баарын ыйыппытыгар , арба кыыһын ойох ыйыта кэлэн олороллорун санаан, үөрэн ыттайбыт сирэйэ уларыйда.
Эмиэ өрүскэ киирдэ ини - диэтэ Түүрэй. Ийэлэригэр Бэргэн халадаай ырбаахы ,саал былаат аҕалбытын хоһугар киирэн, имэрийбэхтээн баран чөкө уурда. Ыһыахха бардаҕына дьахталлартан ала чуо көстүүһү. Ол курдук эгэлгэ дьэрэкээн өҥнөөх эбит. Маннык таҥастары үөс сиргэ олорор, нуучча дьахталлара үксүн кэтэллэр. Ийэлэрэ Бэргэни кэлэн истэҕинэ, аара тоһуйан үүрбүтүттэн кэмсиннэ, оннук быһыытыттан кыбыһынна. Тахсан уолаттары чэйдэтэлээтэ. Ыаллар Бэргэни дьиҥэр сирбэттэр, көрөн олорбокко санаатыттан үлэлээн - хамсаан эр бэрдэ буоллаҕа. Сырыыта даҕаны сүрдээх эбит. Онуоха холоотоххо Бэдирик аҕата этэринэн сылдьар, оттомо суох, ардыгар эмискэ солуута суох күлэн тэһи барар. Ону аҕата тоҥолоҕунан имнэнэр. Бииринэн кыыстара киниэхэ таҕыстаҕына эрэйи көрүүһү. Баайдарын туһугар дииллэр даҕаны, Бэргэн да дьадаҥыта суохтук көстөр. Онон ыаллар икки күтүөт тэҥҥэ кэлбититтэн икки саары икки ардыгар олордулар. Саатар Түүрэй Токооройго кыыһын биэриэх буолан эрэннэрбитэ баара.
Ньургуһун өрүскэ көстүбэт - диэн Бэргэн тахсан дьиэлээхтэргэ эттэ.
Көстүбэт дуоаа?!
Бай доҕор ханна барбыта буолла - диэн чугастааҕы эргин көрдүү сатаатылар да булбатылар.
Муммута буолуо дуо? - диэн эмиэ сүбэлэстилэр.
Ойууммун диигин дии бул ээ !- эмээхсин кыыһа сөбүлээбэт киһитигэр биэрэллэриттэн ол бу буолуон син ,дии санаан айманна.
Нохоо бар ойоххун көрдөө. Ойоҕуҥ сүппүт ! - диэн Токоорой бары истэллэрин курдук соруйан уолугар эттэ. " Ойоххун" диэн тылы Бэргэн ыарыылаахтык иһиттэ.
Һок! Сүппүт дуо? Ханна ! ? Мин ойоҕум дуо? - диэн Бэдирик дөйөн баран өйдөммүт киһилии халахайданна.
Оннук буолбакка!? Миэнэ дуо?! - Токоорой атын дьоҥҥо кыйахаммытын уолунан таһаарардыы өс саҕа буолла.
Бэдирик сибилигин булан ,сиэтэн аҕалыахтыы таһырдьа таҕыста.
Уолгун тохтот. Аны кини муммутун көрдүүрбүт итэҕэс буолуо. Күүттүн билигин бары барыахпыт - диэтэ Түүрэй ойуун.
Нохоо тохтоо кэл! - Токоорой тахсан соруктаах аҕайдык, тыа быыһын диэки бадьаалаан эрэр уолун үөгүлээтэ.
Оо…оттон ойохпун көрдөөбөппүн дуо?
Кэл диэтим! - Токоорой ордоотуур.
Ньургуһун суолун сүтэрэн ыксаата. Сүрэҕэ битиргэччи тэбэрэ, кулгааҕар иһиллэр курдук. Мээнэ иннин хоту барбахтыы түһээт, уоскуйаары чөҥөчөккө олордо. Эмискэ үрдүгэр суор саҥаран лоҥкунатар. Кыыс көрбүтэ харыйалар үрдүлэринэн, тэлээрбэхтээн баран, чугастааҕы куруҥҥа түһэр. Ньургуһун " баҕар аҕам миигин сирдэтэ ыыппыта буолуо " диэн суору батыста. Суор күүтэн сохсоллон олорор, онтон эмиэ көтөн күпсүйэн тиийэн ,күүтэн олорор. Ол курдук кыыс төгүрүк алааһыгар, киирбитин билбэккэ хаалла. Суорга махтанан илиитинэн сапсынна. Дьиҥэр кыыс аҕата ойууннуурун сөбүлээбэт этэ. Кыыран илгистэн ,көрүүлэнэн баран, дьабыныгар көтө сылдьан баран, хараҕын тиэрэ көрбүтүнэн сууллан түһэрэ дьулаан көстүү этэ. Дьону эмтииригэр күүһүн - уоҕун барытын биэрэр курдуга. Бу сырыыга аҕатыгар махтана санаата. Дьиэтигэр тиийэн көрбүтүн итэйбэтэ. Арай Бэргэн турар. Киниэхэ утары салгыҥҥа уйдаран сүүрэн иһэр курдук. Кыыс утары сүүрдэ. Тапталлаахтар куустуһа түстүлэр. " Түүл дуу илэ дуу?" " Суох илэ. “Иккиэн бу харахтара тырымнаан утарыта көрсөн тураллар. Ахтыспыт санааларыгар, тулалыыр эйгэлэрин умна түһэн ыллылар. Онтон " Ойоҕуум ойоҕум…оол кэллэ " диэн саҥаттан, саҥа уһуктубуттуу балаҕан диэки көрбүттэрэ Бэдирик аҕатыгар, сүтүгүн булбуттуу илиитинэн ыйар.
Арба эйигин кэргэн ыйыта кэлбиттэр - Бэргэн кыбыстыбыттыы, кыыһы кууһан турар илиитин ылла. Ньургуһун икки күтүөт кэлэн туралларын, саҥа өйдөөбүттүү умса көрдө. Кини Бэргэни баҕар үөдэн да түгэҕэр, бииргэ барсыахтыы таптаабыта . Сарсыарда кинини санаан уһуктар, киэһээ кинини санаан утуйар. Күнү быһа өрүскэ олорон ,төһөлөөх күүттэ этэй. Дьоно билигин Бэргэни, иккиһин үүрэр түгэннэригэр бииргэ барсар санаалаах. Бэргэни таптыыр оттон Бэдириги көннөрү аһынар эрэ.
Ити эһиги оччоҕуна кыыскытын кимиэхэ эргэ биэрэр буоллугут!? - Токоорой кыыстарын тахсан, көрөн турар төрөппүттэриттэн - киҥинэйэн эрэрдии ыйытар. Түүрэй ойуун ыар нүһэр, кимтэн да толлубат бэйэтэ бу сырыыга мах бэрдэрдэ. Балаҕаҥҥа киирбитигэр, Токоорой уолунаан батыһан киирдилэр.
Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыһым, ити Бэргэн уолу ордорор эбит. Оҕобун ытаппытынан - соҥоппутунан, эһиги уолгутугар кыайан биэрбэт буоллум. Онон алы гынаргытыгар көрдөһөбүн - Ойуун кэһиэҕирбит куолаһынан эттэ.
Оччотугар саат куттарыытын төлүүр буоллаххыт!! - Токоорой көбүөлээн эрэрдии саҥарар.
Ол онтуҥ төһө буолуой?
Кинээс быһаарыаҕа ! - диэтэ Токоорой - чэ барыах нохоо! Дьиэлиэх!
Оттон ойохпун!?
Бардыбыт диэтим кэрэдэк! - уолун күргүйдээн илдьэ таҕыста.
Аҕаа оттон иньээм " ойоҕо суох кэлээйэҕин!” диэбитэ дии - Бэдирик аҕатын батыһан иһэн ыйытар.
Ойохтонон таймаланан бүттүбүт! Аккын ыҥыырдаа! Сириллэн баран туруоҥ дуо?! - Токоорой бииринэн дьоҥҥо суоһурҕанан ,үөгүлээбитэ өй дуораана буолан, тыаҕа эҥсиллэн устунан Элиэнэ эбэнэн тарҕанан симэлийдэ.
Аҕаа “саат куттарыыта” диэн ити туоҕу этэн барда? - бүтэһик кэпсэтиини ,киирэн иһэн истибит буоланнар Ньургуһун ыйытта.
Саат куттарыыта диэн оттон ,дьиҥэр былыргы умнуллан эрэр үгэс этэ. Кимиэхэ эмит туоҕу эрэ биэриэх буолан эрэннэрэн баран ,тылгар турбатаххына, кыбыстыыга киллэрдэххинэ төлөтөллөр.
Оттон туоҕун саатай. Ким да көрбөтөх ,истибэтэх буоллаҕына. Биһиги кимиэхэ да кэпсээбэппит.
Буолбутун иһин сириллэн баран төттөрү барар , тустаахха туох үчүгэйэ кэлиэй. Эбиитин кинээһинэн куттаан барда. Онтон син биир сурах тарҕанар.
Ол “саат куттарыыта” диэҥҥэ төһөнү төлөтүөхтэрэй? Мин төлүөм буоллаҕа дии - Бэргэн кэпсэтиигэ кыттыһар.
Токоорой оҕонньор уола Бэдирик, Түүрэй ойуун кыыһын ойох ылыахтааҕын, икки өттүттэн остуос быспыттарын үрдүнэн ,“кыыһын атын киһиэхэ биэрдэ “диэн ойууну кинээскэ үҥсэн, саат куттарыытын төлөттүлэр. Кинээс чаччыынаны кытта ойуун ыанар тарбыйахтаах ынаҕын кытта, көлүнэр кунан оҕуһун уоппустаан тутан ылаары гыммыттарын, күтүөттэрэ Бэргэн хачыгырас харчынан төлөһөөрү, таһааран ааҕан хачыгыратта. Кинээс ону көрөн саҥатыттан матта. Кини балаҕаҥҥа киирэригэр солотунан туһанан, бардамныах курдук туттан иһэн ,мааны таҥастаах күтүөт өтөрү - батары көрбүтүгэр уостан хаалбыта. Онтон билигин саат куттарыытын төлөтөллөрүгэр ,күтүөттэрэ биир ,икки эрэ ынах буолбакка бүтүн үөр сылгыны атыылаһыахха сөптөөх харчыны таһааран баран ,сороҕун ааҕан биэрдэ. Онтуота түөрт төбө сыаната буолла. Кинээс сыаҕа иҥсэрэн салбанар ыт курдук буолла. " Бэйи тустаахха тиксэриллиэ ,бэйэтэ кэлсибэтэ " диэн баран укта охсон кэбистэ. " Ити аһара элбэх буолбатах дуо?”- диэн чаччыына этэн көрбүтүн, кинээс кырыктаахтык кынчарыйан саҥата суох ыытта.
Кинээс Токооройдооххо кэлэн, харчыларын сороҕун эрэ биэрдэ. " Сирэн сирэн сиргидэххэ түбэһиэхтэрэ!” - Бэдирик ийэтэ кинээс биэрбит харчытын аахпакка эрэ, халадаайын ис өттүгэр, бэйэтэ тикпит сиэбигэр уктан кэбистэ. " Өссө мин оҕобун сирбит буола, буолалар!" - диэн эбэн ботугураата. Кинээс ону эрэ күүппүттүү сыалбас гынан хаалла.
Кэнники Бэдирик " Иньээ оттон атын ойох суох дуо? Ол кинилэр кыыстара эрэ баар үһү дуо? “- диэбитигэр биир бүрэ да буоллар, сэниэ ыал кыыстарын ойох ыйыппыттара. Бэдирик сүүрүк аты атыылаһаары гыммыт киһилии, кыыс тула хаамыталаан баран ,мичик гыммыта. Кыыһа эмиэ күлэн сыһыгыраан иһэн айаҕын сабы туттубута. Ыал буолалларыгар тыла суох кэпсэтии, сөбүлэҥнэрэ итинник этэ. Таптала ,таймата суох оннук холбообуттара. Бэдирик ойоҕунаан хаппахчыга хоммуттарын кэнниттэн, ийэтэ Бэдириктэн ыйытта.
Хайа нохоо ,ойоҕуҥ хайдах эбитий? - диэн " эрдэ эр киһилиин утуйбут эбит дуо?”- диэн курдук ыйыппытын уола ,онно эрэ кыһамматтыы холкутук хоруйдуур.
Үчүгэй иньээ үчүгэй - эрэ диэн туох эрэ минньигэһи сиэбит киһилии туттан этэр. Үөрэн ыттайар. Бэдирик хата барытын " үчүгэй " диэн иһэринэн маладьыас. Кыыс эргэ тахсарыгар " кыабакатын симэҕэ тыаһыахтаах" ол эбэтэр эр киһи туһана илик " бүтэй" буолуохтаах. Ол умнуллан эрэр үгэс. Эбэтэр Бэдирик курдуктар ону эрэ баардылаабат, онно эрэ кыһаммат дьон умуннарбыттара буолуо. Кыыс эрдэ " кыабакатын симэҕэ тыаһаабыт" буоллаҕына эмиэ " саат куттараллар".Уоллаах кыыс оҕону, сорохтор кыра саастарыгар кэпсэтэн " остуос быһаллар" ол кэннэ бу кыыс оҕо ,холбоһуор диэри кылаана да кыларыйыа суохтаах диэн. Дьэ оннук. Ону биһиги кэпсээммит дьоруойа Бэдирик обургу “эрдэ тыаһаабыт эрэ, суох эрэ” биир тылынан " үчүгэй иньээ үчүгэй" диэн быһааран кэбистэҕэ ити.
Бэргэн Ньургуһунун Аанньаах куоратыгар көһөрөн аҕалбыта. Тыа кыыһа улахан өстүөкүлэ түннүктэрдээх ,ат эккирэтиэххэ сөптөөх дьиэни саҥа көрөн сөхпүтэ, астыммыта.
Ол кэмҥэ Герасим били үнүргү амырыын атаһынаан, Бэргэни көрдүү сылдьаллара.
Бэргэни Аанньаахха барыан иннинэ, Түүрэй ойуун сэрэппитэ. “Маннык күҥҥэ, бачча кэмҥэ сэрэх буолаар, икки хара күлүк кэлиэҕэ. Утуйан сэрэххин сүтэрэр түгэҥҥэр ,дьиэҥ умайыан ол эбэтэр, туох эрэ бөрүкүтэ суох быһылаан буолуон син” диэн сэрэппитэ. Бэргэн ону аахайбакка умна сыспыта, хата Ньургуһун уһугуннарбыта. Аҕата этэрэ туолан иһэрин биллэр буоллаҕа, ол иһин ытырыктата санаабыта. Түүн тиэргэннэригэр атах тыаһа тибигирээбитэ. Уол таҥнан таһырдьа тахсыбыта. Ыйдаҥалаах буолан, икки күлүк диэни эргийэн, барыҥнаһан үөмэн иһэллэрин көрбүтэ. Ойуун сэрэппит буолан Бэргэн быһаҕын ,саатын бэлэмнээбитэ да дьиэ иһигэр хаалларбыт. Ол оннугар ааны туора олуйан, хатыыр маһын тута сылдьар. Күлүктэр эргийэн аан аттыгар кэлиилэригэр уол дьиэ муннугар, күүлэтин эркинигэр ыга сыстан турда. Биир күлүк бу барыйан кэллэ, умса нөрүйэн ааһар кэмигэр маһынан төбөҕө сырбатан иһэн ,илиитэ барбата. Ол иһин үөмэн иһэр киһини саҕатыттан тардан баран ,сүнньүгэ биэрэн баран ,быарга тэптэ. Ол төкүнүтэр кэмигэр иккис киһи куоппутун эккирэттэ, олбуор нөҥүө ойон эрдэҕинэ аан хатыыр маһынан, сиирэ халты охсуолаан куоттарда. Онтон бастаан чокуйбут киһитигэр кэлбитэ, суола сойбут. Арай саҕатын көтүрү тардыбыта хаалбыт. Ону Бэргэн ылан дьиэҕэ илдьэ киирдэ.
Аҕаҥ сэрэппэтэҕэ буоллар дьэ кырдьык ити дьон туоҕу гыналлара биллибэт - диэн Бэргэн Ньургуһуҥҥа этэр.
Куорат сир дьалхааннаах дииллэрэ кырдьык эбит. Оттон Бэргэн эрэй элбии илигинэ, тыа сиргэ көстөхпүтүнэ хайдах буолуой? - Ньургуһун куттанан төгүрүччү көрөр.
Ити били миигин эккирэтээччи дьон буолуо - Бэргэн кэргэнин этиитигэр, бу диэн хоруйдаабата.
Герасим куомуннааҕа Онуфрийы кытта, хараҥа дьыалалара сатамматаҕа. Ол да буоллар Бэргэнтэн хайдах эмит гынан ,көмүһүн былдьыыр санаалаахтар.
Дьэ табыллыбатыбыт.
Суутунан киириэххэ!
Дьоммутун өлөртөөн баран көмүспүтүн былдьаабыта диэтэххэ , суут биһиги диэки буолуон син. Кини соҕотох, кэрэһит суох. Биһиги иккиэбит. Уонна кини кыайан нууччалыы да саҥарыа суоҕа. Оччотугар суут биһиги диэки буолуоҕа! - диэн саха уолун Бэргэни сэнээн суутунан киириэхтэрин баҕараллар. Нууччалыы кэпсэтэллэр.
Элиэнэ эбэ киэҥ ньуура чуумпуран, сиэркилэ курдук буолан ,күн уотугар мэндээрэр. Кытылга олорбут хоптолор эргийэ көтөн тахсан ,тэлээрбиттэрэ күн уотугар кыһайа көрдөххө ,ирбинньиктэнэ оонньууллар. " Первенец" диэн борокот аал көлө, икки өттүнэн ,салбахтарынан ууну өрүтэ ыспахтыыр. Уһун турбатынан хара буруо уһуурар. Күллүр - баллыр гыннаран, көлүөһэлэринэн эрдинэн сүүрүк өрө дьүккүйэр.
Бэргэни бүгүн суукка ыҥырдылар. Тиийбитэ Герасим кытта, били куомуннааҕа бааллар. Герасим былааннаабытын курдук буолбатах эбит. Бэргэн таҥаһа саба мааныта сүрдээх. Нууччалыы санаатын этэр киһи буолан биэрдэ. Нууччалар хата бэйэлэрин таҥастара мөлтөх буолан , кыбыста быһыытыйдылар. Герасим били Бэргэн дьиэтигэр үөмэн киирэн истэҕинэ, хомуһуолун саҕатын туура тардыбыта. Онтун иһинэн кэппитэ, саҕатын сабыламмыта син биир көстө сылдьар. Сандаарым судьуйаҕа Герасимнаах эрдэ кэпсээбиттэр быһыылаах. Ону уолтан доппуруостаабытыгар туох баарынан кэпсээтэ. Хата бэйэлэрэ сабы түһэн доҕотторун өлөртөөбүттэрин, уонна манна эккирэтэн кэлэн дьиэтин уоттуу сатаабыттарын, биирдэстэрин саҕатын туура тардан ылбытын көрдөрдө. Ону Герасим биллэн турар мэлдьэстэ. Онуоха Бэргэн судьуйаҕа этэн , Герасим тас сонун устарга күһэйдилэр. Устубутун кэннэ Бэргэн, таҥаһын тэҥнээн көрбүтэ сөп түбэстэ. Инньэ гынан Герасимнаах уолу үҥсэн көмүһү ылаары гыммыттара, сатаммата. Оччотооҕу суут биллэн турар, харчылаах өттүгэр охтор буоллаҕа. Бэргэн онно төлөөбүтүн да иһин, кистэммит көмүһэ баһаам. Герасимнаах сууту кыайан атыыласпакка , сэнээбиттэриттэн сэттэрин ылан, хараҥа хаайыыга ,түүнүктээх түрүмэҕэ ыт баһын саҕа, ыадар күлүүһүнэн хатаннылар.
Бэргэн төһө да байбытын иһин, дьоно көмүс ыарахан тыыннааҕын иһин, дьоно сэрэхэдийэн сүбэлииллэрэ. Ол иһин Бэргэн нэһилиэгэр бэйэтин үбүнэн , таҥара дьиэтин уонна оскуола туттарбыта. Дьадаҥы ыалга төрөөбүт буолан, тиийиммэт - түгэммэт ыалга көмөлөһөрө. Аҕыйах сылынан Бэргэннээх Ньургуһуҥҥа, көмүстээҕэр күндү чыычаахтара төрөөбүттэрэ. Туохтааҕар, көмүстээҕэр даҕаны күндү ,оҕо диэн буоларын билбиттэрэ. Дьоллоох соргулаах ыал буолбуттара. Ньургуһун аҕыйах эрэ сыллаахха өрүскэ Бэргэнин кэтэһэн эрэйи көрөрө ,билигин эмиэ икки оҕо сиэтиилээх өрүскэ киирдэ. Бэргэн курдук дьүһүннээх уолчаан, хаптаххай чараас тааһы ылан, өрүскэ быраҕан халыта оонньуур. Ону көрөн Ньургуһун курдук сирэйдээх, кырачаан балтыта, үөрэн ытыһын охсунар, өрүтэ тэйиэккэлиир. " Биий, икки ,үч!" диэн аахпыта буолар. Ньургуһун Бэргэнниин саҥа билсэллэригэр, эмиэ итинник, уол тааһы быраҕан, хаста өрүс ньуурунан тэйиппитин ааҕара. Билигин оҕолоро көмүс чыычаахтара чубугураһан , күлэ - үөрэ оонньууллар. Ама мантан ордук дьол баар үһүө. Ньургуһун кыысчаанын көтөҕөн ылан, сэрэнэн үөһээ эргиттэ. Кыысчаан былааччыйата эргийэр, күлэн чачыгырыыр. Ону арай аҕалара Бэргэн кэлэн, көрөн үөрэн турар эбит.
Бүттэ.
Ородьумаан
11.12.2022.
Родион Данилов - Ородьумаан
Сэһэн
Бэргэн Бодойбоҕо көмүстээх тайҕаҕа, сылы быһа үлэлээн эрэйдэммит, көмүһүттэн ытыһын сотунна. Бодойботтон айаннаан истэхтэринэ, ороспуонньуктар тоһуйан сытан бэрдээнинэн ытыалаабыттара. Икки куомуннааҕын, эр биир тиэритэ ытыалаабыттарыгар ,Бэргэн кыл мүччү тыынын тэскилэппитэ. Билигин түҥ тыаҕа ,аһаҕас халлааҥҥа соҕотох хаалан ,хайдах дойдутун буларын саныы олорор. Биитим өрүһүнэн Элиэнэҕэ устан киирээри дүлүҥнэри холбоон болуот оҥоһунна. Быһаҕынан сигэ талахтары быһан баайда. Дохсун сүүрүк таҥнары устан иһэн көрбүтэ, кытылга оҕолоох эһэ турар. Икки кэлин атаҕар туран олоотуур. Бэргэн сатыы барбыта буоллар түбэһиэх эбит. Устан иһэн чычаас харгыга анньылынна. Балыктар эҕэтигэр киирэн оргуйа сыталларын тутан үссэннэ.
Салгыы устан иһэн сүүрүккэ оҕустаран, болуота тааска саайан ыһылла түстэ. Ууга буккуллан атаҕынан чычааска таарыйан, оломноон кытылга нэһиилэ таҕыста. Болуотун мастара босхоломмучча үрүө - тараа ыһыллан ,кыһыппыттыы үөс диэки киирэн таҥнары уста турдулар. Бэргэн кытылга таҥаһын устан ыгынна. Тааска куурда тэлгэттэ. Уол хайыан да билиминэ кытылга хаамыталыы сырытта.
Киэһэ үрэх хаспаҕын оҥхойугар киирэн, онно утуйан хонно. Сарсыарда хара сыыртан өрүс диэки көрбүтэ, икки оҥочолоох киһи устан кэлэн тигистилэр. Өйдөөн көрбүтэ били кини доҕотторун өлөртөөн баран, көмүстэрин халаабыт дьон эбит. " Түөртэр этэ дии ,иккитэ ханна эбитэ буолла, көмүстэрин үллэстэн тарҕаспыттара эбитэ дуу , эбэтэр көҥөнөн " сайылаан " да кэбистэхтэринэ көҥүл дьон. Бэргэн куотуох курдук буолан иһэн, харса суох санаатын киллэрдэ. " Ханна да баран сүтэрэрим суох, кыргыһан баран өлбүт ордук, доҕотторбун ситиһиэм!" - уол сымыһаҕын быһа ытырда. Тарбахтарын тыаһа лачыгырыар диэри сутуругун ыга тутта. Кытылга оҥочолорун тардан баран ,икки өлөрүөхсүт тыа диэки хаамтылар, иккиэн эр биир ботуоҥка сүгүүлээхтэр. Онно ыарахан таһаҕас баарын биллэрэн ,нүксүччү туттан хаамаллар. Бэргэн көрө сытан, быһаҕын бигээн көрдө. Онтон ол дьон иккиэн бэрдээн сүгүүлээхтэрин көрөн чаҕыйа санаата.
Икки киһи өрүс кытылын ,хара сыырын дабайан тахсан
,сынньанаары ыарахан сүгэһэрдэрин түһэрдилэр. Биирдэһэ татаар иккиһэ нуучча. Кинилэр дойдуларыттан, көмүскэ үлэлии кэлэн бараннар, сүрэҕэдьээн үлэлээбэккэ көмүһү чэпчэкилии, дьонтон былдьаан ыларга санаммыттара. Көмүскэ үлэлииргэ сөптөөх тэрил ылыахтаах, уонна аһыахтаах харчыларынан саа ,сэп атыыласпыттара. Уонна көмүскэ үлэлээн бүтэн баран иһэр дьоннору халаары, кэтэспиттэрэ да ким да биллэ охсубат этэ. Онтон кэмниэ кэнэҕэс, үс ыарахан сүгэһэрдээх дьон кытыл диэки кэлэн иһэллэрин , иккитин ытыалаан охторбуттара , үһүстэрин куоттарбыттара. Баара суоҕа үс буулдьа кэннэ ,соҕотохто байа түспүт үөрүүлэрин кистээбэтэхтэрэ. Газитулла диэн сулардыы бытыктаах татаар киһитэ, көмүһү тутан көрөн мэктиэтигэр илиитэ салҕалаабыта. Үөрэн сыҥааҕа эйэҥэлии түспүтэ, киниэхэ таҥара дьолу тосхойбутунуу умса түһэн олорон туоҕу эрэ ботугураабыта. Онтон эмискэ аттыгар ,дьоннор баалларын саҥа көрбүттүү сирэйэ уларыйан ,дьэбин уоһуйа түспүтэ. Көхсүн этитэн, баран ойон турбута. Үс куомуннааҕын хамаандалаан өрүскэ киирбиттэрэ. Түөрт киһи эрдэр улахан оҥочотугар олорсон ,өрүс хаҥас кытылыгар тиксибиттэрэ. Газитулла эрэнэр киһитин Герасимы ыҥыран эппитэ :" Герасим надо избавиться от этих двоих. Нам обоим больше золото достанется " диэбитигэр, биирдэһэ сөбүлэһэн , иккиэн хайдах өмүтүннэрэн сабы түһэн боҕутуннаралларын сүбэлэстилэр. Икки эрэ саалаахтар.
Биир сааны Газитулла иккис сааны Марат диэн киһи сүгэ сылдьар. Ыллык устун субуруһан хааман иһэллэр. Газитулла Марат кэнниттэн хааман иһэн бүдүрүйбүтэ буолаат, саатын көннөрбүттүү туттан иһэн, эмискэ Мараты көхсүгэ ытта. Саа тыаһа түптэ сааллан киһи көхсүн хараҕар, буулдьа түһэн “дьэллэс " гыннарда. Киһитэ умса туруйалаата. Ону кытта Герасим биир нууччаны, быһаҕынан кэйгэллээтэ.
Икки киһини дьууктаан бараннар суолларын сотунаары , төттөрү өрүһү туораабыттара. Билигин бу салгыы ханна баран, көмүстэрин ханна кистииллэрин быһаарына сатыы олороллор. Кинилэри тыа быыһыттан, икки харахтар кэтииллэрин сэрэйбэттэр.
Бэргэн икки саалаах киһи хаһан ханна тохтоон утуйалларын ,эбэтэр сааларын дьалты ууралларын кэтиир. Сыҕарыйдахтарын аайы ,үөмэн батыһан истэ. Тугу кэпсэтэллэрин улаханнык өйдөөбөт. Арай отур ,ботур " Газитулла, Герасим " диэн ыҥырсалларын истэр. Кэнники амбаардыы охсуулаах ,ханнык эрэ иччитэх үүтээҥҥэ кэллилэр.Көмүстэрин таһыгар ууран, иһигэр киирдилэр. Бэргэн үөмэн кэлэн үүтээн кэннигэр турда. Чыпчылыйыах түгэнэ арааһы бары токкуйдаата. Сүүрэн тиийэн көмүстээх ботуоҥканы харбаан ылан сүүрэн хаалыан саныыр. Оннук буоллаҕына,
саалаах дьонтон ыраах куоппата биллэр. “Саатар сааларын таһыгар ууран, хаалларбыттара буоллар " дии саныыр уол.Бэргэн бэдэр кыыл курдук үөмэн үүтээн ааныгар чугаһаата. Илиитигэр чиргэл тоһоҕо тута сылдьар. Тэлэччи аһыллыбыт аан кэннигэр турда. Халыахсыттар сааларын дьиэ иһигэр хаалларан тахсан кэллилэр. Кэннинэн турар кэмнэригэр биирдэстэрин кэтэххэ сырбатта. Киһитэ " һыхх!” диэтэ да хараҕын өҥүргэс курдугунан көрбүтүнэн умса баран түстэ. Герасим түҥ хааһаҕы бырахпыттыы түспүтүгэр Газитулла соһуйан хайыһа түстэ. Бэргэн иккиһин охсубутугар Газитулла харытын тоһуйан биэрдэ уонна Бэргэни уолугуттан ылан булгу сөрөөн түһэрдэ. Модьута диэн сүрдээх эбит, уолу муомахтаата. Бэргэн үрүҥ күнэ харааран барда, мөхсө сатыыр даҕаны ытарчалыы ылбыт илии хам ылбытын ыһыктыбат. Уол хараҕа дьиримнээн харыйалар төбөлөрө, эккирэһэр курдук буоллулар. Ууга түһэн эрэр киһи оттон тутуһаары тарбачыһарын курдук этэрбэһин оһуттан быһаҕын ороото. Күн хараарар ,күһэҥэ быстар кэмигэр киһини өлөрүөм диэн токкуй суох. " Тыын тыыҥҥа харбас!” Бэргэн хостообут быһаҕынан баттаан сытар Газитулланы ойоҕоско кибиһиннэрдэ. Татаар уҥуохха харбыт ыттыы " хых! хых!" - гынна. Ол кэмҥэ уол иккиһин ,үсүһүн ньим гыннартаата. Сытыы быһах төбөтө, иҥсэлээхтик кибиргэппитин кэннэ татаар ,икки дьабадьытыттан хаана сынньылыйан уол сирэйигэр таммалаан үрдүгэр налыс гынна. Бэргэн ыарахан ыйааһыннаах киһи баттаан сытарын нэһиилэ туора хаһыйан таҕыста. Төбөҕө охсуллан дөйөн сыппыт Герасим мээнэнэн көрөн баһын буккуйар, тобуктаан олордо. Ол кэмҥэ Бэргэн Газитулла тирии курун сулбу таһыйан ылан Герасимы илиитин кэлгийдэ.
Татаар Газитулла арбайбыт бытыга, сирэйэ бүтүннүү хаан буолан ,халлаан диэки көрбүтүнэн ,илиитин быластаабытынан, өлөн тыыллан сытара уол көрдөҕүнэ дьулаан көстүү этэ.
Герасим дьэ өйүгэр кэлэн Бэргэҥҥэ ааттаһан элэ - была тылын таһаарда. " Уол өйдүүрүнэн " Ити көмүһү барытын ыл ,миигин өлөрүмэ " - диэн көрдөһөр.
" Эһиги бэйэҕит мин дьоммун өлөртөөбүккүт !" диэн илиитин көмөтүнэн ,уонна нууччалыы билэр, тылларынан быһаара сатаата. Хабарҕатын быһа сотон көрдөрөр. Онуоха биирдэһэ " Билигин мин дьонум кэлиэхтэрэ уонна баскын быһыахтара!" - диэн төттөрүтүн өйдөөн эбии иэдэйдэ. Онуоха эбии уол үүтээнтэн бэрдээни тутан тахсыбытыгар, атаҕар сытан ааттаста. Уол бу киһини хайыан токкуйдуу олордо.
Бэргэн Герасимныын кытылга киирдилэр. Таһаҕаһын сүктэрэн киирэн баран уол тыыга олорсон анньынан кэбистэ. Киһитэ кытыл устун саллырдыы турда.
Дохсун сүүрүк элэҥнэччи устар. Ханна эрэ борокуоттар буруолара унаарар. Элиэнэ эбэ эккириир долгунугар, тыыраахылар усталлара күн уотугар ирбинньиктэнэ оонньууллар. Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа, кураан күн туоһутугар элиэ тахсан элиэтиир, кулуннуу кистиир. Бэргэн устан иһэн оҥочоҕо сыта түһээри ,утуйан хаалбыт эбит. Уһуктубута балаччаны таҥнары түспүт. Кытылга тиксиэхчэ буолбутун, чиэс маһынан үөс диэки анньынан кэбистэ. Кытылга дьонноох сир көһүннэҕинэ, тохтообокко ааһан иһэр. Ардыгар тохтоон мас көтөрүн ытан үтэн сиир. Оннук биирдэ улар түспүтүн ытаары үөмэн истэ. Улар ханнык маска түспүтүн ытаары олоотуу турдаҕына ,бэрдьигинэ быыһыттан, бүүчээн тахсан кэллэ. Киһи сытын ылан хантаарыҥныы турдаҕына түҥнэри ытан түһэрдэ. Ону кытта быыһаммыт улар кынатын тыаһа сурулаан көтө турда. Уол булдун астаан, быарыттан сиикэйдии сиэтэ. Ордугун тыытыгар илдьэн тиэйдэ. Айаннаабыта төрдүс күнэ. Уол бүгүн эмиэ кытылга тигистэ. Ботуоҥкалаах көмүһүн кистээн баран ,эмиэ туоҕу эмит ытаайабын диэн кэрийэ түстэ. Арай биир балаҕан баарын көрдө. Дьону көрсүбэтэҕэ ыраатта. Ханна кэлбитин Аанньаах төһө ырааҕын ыйыталаһан билээри, чуҥнаан баран балаҕаҥҥа киирэргэ сорунна.
Чугаһаабыта тиэргэҥҥэ сэргэҕэ ала ат бааллан турар. Мас иэччэхтээх балаҕан аана ынчыктаан эрэрдии кыыкынаан аһылынна. Киирбитэ оҕонньордоох эмээхсин олороллор. Эмээхсин уолу алларааттан үөһээ одуулаата. Оҕонньоро киһи киирдэ диэн кыһаммакка көмүлүөк оһох иннигэр, олорон хамсатын соппойор.
Дьиэлээхтэр кэпсээҥҥит - уол хайыан билиминэ тэпсэҥнии турда.
Суох эйиэнэ - эмээхсин уолга талах олоппос биэрдэ - Оҕонньоор ыалдьыт кэллэ дии - диэтэ эмээхсинэ.
Көрөбүн ээ - оҕонньор түҥнэри хайыһан олорон чөҥөчөгү эргиппитии дьэ түөһүллэн уол диэки иннинэн буолла - кэлэн иһэрин баарыан миэхэ биллэрбиттэрэ - диэн оҕонньор уоттаммыт хараҕынан уолу ,өтөрү - батары көрдө.
Кимнээх биллэрбиттэрэй? - уол долгуйбутун биллэрбэккэ гына сатыырдыы ыйытта. Араас санаа элэҥнээтэ. " Ама ким тыллаабыта эбитэ буолла?"
" Бу оҕонньор хантан биллэ ? " диэн уол ыксаата.Суордарым - диэт оҕонньор күлэн кыччыгынаата. Бэргэн онно эрэ өйдөөтө, ойуун дьиэтигэр киирбитин. " Ааһа турбакка киирээччи буолан " диэн уол кэмсинэ санаата. Ону сэрэйбиччэ оҕонньор.
Эмээхсиэн ыалдьыты чэйдэт - диэбитигэр эмээхсин сандалытыгар эт , собо , дьуухала уурда. Бэргэн ахтыбычча арыылаах лэппиэскэни тото мотуйда.
Хайа диэки айаннаатыҥ нохоо?
Өрүс таҥнары Аанньаах диэки түһэн иһэбин төһө ырааҕа буолуой.
Чугаһаабыккын аҕыйах көс хаалбыт. Хантан кэлэн иһэҕин?
Бодойбо диэкиттэн… үлэлии сырыттым.
Көмүскэ дуо?
Оннук.
Ити кыттыгастаргын " ийэлээҕэр ,аҕалааҕар “ыыттыҥ дуо? - оҕонньор эмиэ хараҕа уоттана түстэ. Бэргэн соһуччу ыйытыыттан бөтө бэрдэрдэ. " Бу оҕонньор манна олорон, хайдах билэрэ буолла. Дьоҥҥо тыллаабат ини “- Бэргэн уол салынна.
Оҕонньоор сүгүн буол эрэ , ыалдьыты түүрэйдээмэ.
Сыыйа сонунун кэпсиэ буоллаҕа дии - эмээхсинэ эппитигэр Түүрэй Ойуун күлэн тииһэ орсойдо.
Чэ ити хааллын. Уонна Бодойбо диэки туох сонун баар? - Түүрэй Ойуун эмиэ киһи киһитинэн буола түстэ.
Улахан сонун суох. Мин Бодойбону көрбөтүм даҕаны. Үксүн тыаҕа үлэлии сырыттым.
Көмүс бөҕөнү хостоотоххут дии?
Син үлэлэспиппит этэ даҕаны , көмүспүтүн аара түөкүттэр түбэһэн халаабыттара - Бэргэн эппитигэр оҕонньор итэҕэйбэккэ тургутардыы көрдө. Онтон эмиэ да саарыыр курдук саҥарда.
Ол иһин даҕаны хаан сыта кэлэр этэ. Ол аата тыыҥҥын тэскилэттэҕиҥ дии.
Оннук - Бэргэн бу дьиэттэн тахса охсуон баҕарда. Түүрэй Ойуун барытын өтө көрө олорор курдук. Ол кэмҥэ хаппахчыттан уһун суһуохтаах ,көмөрүнэн биспиттии хаастаах ,сырдык сэбэрэлээх кыыс таҕыста. Уолу көрөн симиттэн таһырдьа таҕыста.
Ити биһиги күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыспыт. Ньургуһун диэн ааттаах - Эмээхсин эппитигэр уол, туран тахсан барыах санаата симэлийдэ.
Бу диэки мас көтөрө биллэр дуу? - уол бүрүүкээбит чуумпуга таах олоруохтааҕар ыйытта.
Хара тыаҕа бочугурастар, бэскэ улардар балай эмэ бааллар.
Айаҥҥа өйүө оҥостоору ити…
Ыксаабат буоллаххына хонон бар. Кулааһай да кудулуур кэмэ. Курааҥҥа киирэр. Уонна күлүмэнтэн тэһииркээн, тайах даҕаны күөл кытыытыгар сытааччы. Эдэр киһи тыаҕа тахсан, чээччэйэн киирдэҕиҥ дии.
Байанайыҥ тосхойдоҕуна, аранан биһиги даҕаны өл хабыа этибит. Хара сиэбэтэхпит ыраатта.
Ээ оттон мин ханна ыксыахпыный. Хонон баран, кырдьык тыаҕа тахса сылдьыллара дуу - диэн Бэргэн дьэ тыл тылга , киирсэн эрэллэриттэн үөрэ санаата. Таһырдьа тахсан олоро түстэ.
Ньургуһун кэлэн ааһан иһэн , кыбыстан уолу “кылап” гынан көрөн ылла. Имин хаана кэйэн ,иэдэстэрэ кытаран обуйук уостарын сэгэтэн мичээрдээтэ ,уонна дьиэтигэр киирэн хаалла. Уол кыыһы кытта көрсүһүүттэн, маннык долгуйа илик буолан, саҥата суох имэрийэ көрөн хаалла.
Бу кэмҥэ Герасим биир ханнык эрэ киһилиин, тыынан устан кэлэн иһэллэр. Герасимнаах Газитулла биир да күн үлэлээбэккэ гынан баран, соҕотохто байа түспүттэрэ. Көмүстэрин ханна илдьэн туттаралларын саныыллара. Ыра санаалара элбэх этэ. Харахтарыгар ойуулаан көрдөхтөрүнэ, кабагы кинилэр баһылыыллар. Кырасаабысса дьахталлар барыта кинилэр гиэннэрэ. Ол ыра санаалара туолбатаҕа. Үүтээнтэн, тахсан истэхтэринэ кэтэҕэ ньиргийэ түспүтэ. Сирэ халлаана эргийэн ,дириҥ далай хараҥаҕа ньимис гыммыта. Төһө өр сыппыта буолла. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ Газитулла хаан - билик буолан өлөн тыыллан сытара. Киниэхэ төбөтүгэр саа уоһа, тымныынан хаарыйан , эт этэ барыта дьырылыы түспүтэ. Үрүҥ тыынын өллөйдүүрэ, абырыыра таҥара эрэ хаалбыт курдуга. Герасим саалаах уолтан ааттаһан, элэ - была тылын эппитэ. Саха сахата өтөн бадаҕа аһынан тыыныгар турбатаҕа. Иккиэн иин хаспыта буолан, Газитулланы кистээбиттэрэ. Саха буолан сиэри тутуспута буолар буоллаҕа, кинилэр көмүсчүттэри ыт курдук ытыалаан хаалларбыттара, онтон аньыылара харалара өтөн, бэйэлэрэ оннук кэби кэттэхтэрэ. Герасимы кытылга хаалларан уол көмүһү барытын тиэнэн барбытыгар Герасим абатыйа ,муҥатыйа хаалбыта. Онтон билэр киһитин булсан ,сороҕун борокуотунан ,онтон бу тыынан устан , көмүһү күрэппит уолу ир суолун ирдээн, тор суолун тордоон иһэллэр.
Бэргэн
тыаҕа кыыл баара дуу ,диэн чугаһынан чээччэйэ таҕыста. Дьиҥэр уол тыытыгар олорсон, сүүрүк таҥнары уста туруохтааҕа. Онтон ити Ньургуһун диэн кыыһы көрөөт, санаата харааччы иирдэ. Кыыс да киниттэн хараҕын араарбат курдук. Кыыс өрүскэ киирбитин көрөн уол эмиэ киирбитэ. Хаптаххай тааһынан Бэргэн өрүскэ быраҕан халыппыта. Таас хаста оҋон тахса ,тахса умсаахтаммытын иккиэн ааҕаллара күлсэллэрэ. Онтон кыратык кэпсэтэн билсибиттэрэ. Бачча сорунан баран, саатар биир эмит туртаһы ыппыт киһи диэн санаалаах. Илии тутуурдаах ,өттүк харалаах тиийдэҕинэ, оҕонньордоох эмээхсин төһө эрэ үөрэллэр, Ньургуһун үөрүө дуо? Бука үөрэн саҥата суох мичик гыныаҕа ,уонна уол диэки истиҥник көрөн кэбиһиэ - Бэргэн хайдах көрсүөхтээхтэрин хараҕар ойуулаан көрөн баран ис иһиттэн үөрүөх санаата кэллэ. Билбэт дойдута буолан Түүрэй ойуун ыйбыт сиринэн мээнэ баран истэ. Күөлгэ кэлэн тыа быыһынан , эргийэ кыйа хаамта. Тайахтар ,кулааһайдар суолларын батан баран истэҕинэ ,эмискэ үлүгэр мас тыаһа өрө барчалана түстэ. Күлүмэнтэн тэһииркээн күөл кытыытыгар сыппыт, аарыма лөкөй ,муостара адаарыйбытынан ойон турда. Күөл хомуһа бүөлээн көстүбэккэ сыппыт эбит. Бэргэн соһуйан тиэрэ баран иһэн өрүһүннэ. Тайах үлтү барчалаан куотан иһэн, тохтоото " туох баҕайыный ?” диэбиттии эргиллэн көрдө. Ол кэмҥэ бэрдээн тыаһа өрө хабылла түстэ. Тайах умса бүдүрүйтэлээн баран ойон турда, да уолу көрбүтүнэн утары атаралаан иһэр. Бэргэн куотан мас кэннигэр түһэн баран биирдэ ииттиннэ. Хойобул буолбут тайах хааннааҕынан көрбүтүнэн , сыгынах курдук муостарынан уолу сиэлийээри дугдуруҥнуур да биирдэһэ мастан маска куотан , ытаары тоҕоос көрдүүр. Онтон тайах былас муостарынан баһан ылаары умса нөрүйэн кэлбитин , тирээн туран сүүскэ ытан хабылыннарда. Ону кытта лөкөй ыараханнык охтон атахтара үөһээ адаарыйда .Бэргэн хабырҕатын быһан, булдун сүлэн астаата. Саатар баарыан Түүрэй ойуун атын уларсыбытын, ала ат сиргэнэн сүгүн мииннэрбэтэҕэ. Ол иһин сатыы кэлбитэ. Билигин киһи кыайар этин, сүгэн барарыгар тиийдэ. " Оҕонньору кытта иккиһин кэлиллиэ " дии санаата.Түүрэй ойуун балаҕаныгар ,икки нуучча киирэн кэллилэр. Кинилэри кытта үксүн эмээхсин билэр тылынан балкыйан кэпсэттэ. Түүрэй ойуун дьүлэй киһилии, дьөлө дьуоҕаран олордо. Эмээхсин тылбаастыыр кэриэтэ оҕонньоругар этэр.
Оҕонньоор бу бэһиэччиктэр били Бэргэн уолу ыйыталлар.
Били кэпсэнэр халыахсыттар буолуо. Уолу эппэтиҥ ини?
Ону хантан билиэхпиний! эттэҕим дии. Тыаҕа барбыта диэтим.
Ону туох диэтилэр бу көҕөччү көрбүттэриҥ?!
Күүтүөхпүт - диэтилэр.
Оо үлүгэр эбит доҕор. Ол оҕону бу дьон дьууктаан барыыһылар ! - аҕата этэрин быыс кэннигэр истэн олорбут Ньургуһун тахсан кэллэ.
Оо. Добрый день красотка. Оказывается у вас красавица дочка есть да? Или внучка - диэн биирдэстэрэ Ньургуһун тахса истэҕинэ эттэ. Ньургуһун тахсан Бэргэн барбыт суолунан баран истэ. Өлөрүөхсүттэр кэлбиттэрин уолга сэрэтэр санаалаах.
Бэргэн илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн - көтөн Ньургуһуннаах олорор алаастарыгар чугаһаан истэҕинэ, кыыс утары кэлэн иһэр.
Бэргэн куота оҕус! Саалаах дьон эйигин көрдүү сылдьаллар.
Бай ол кимнээх?
Билбэтим, ханнык эрэ нууччалар.
Хастарый?
Иккиэлэр - кыыс эппитигэр Бэргэн сүгэһэрин түһэрэн ,чөҥөчөккө олорон токкуйдуур.
Чэриий ыксаарыый Бэргэн билигин кэлиэхтэрэ дии.
Мин кинилэртэн куттаммаппын. Мин эйигин сүтэриэм диэн куттанабын. Мин тыанан быһа киирэн ,тыыбар олорон таҥнары түһэ туруохпун син. Оччоҕо уонна эн биһикки хаһан көрсүөхпүтүй?
Билбэтим - кыыс ууламмыт харахтарынан эмиэ да саараабыттыы туттан турда - оччоҕо саатар саһан эр.
Чэ саатар дьиэҕэ бу эккитин чугаһатыам. Бастаан баран чугаһыы түһэн, чуҥнаан көрүөм буоллаҕа - диэтэ. Иккиэн хаамсан истилэр.
Бэргэн ол эн ханна олороҕун? Төһө ыраах бааргын?
Аанньаах сиригэр.
Ырааппытыын.
Ньургуһун мин ыксаабаппын ээ. Мин эн аттыгар, баар буолуохпун баҕарбытым этэ. Эһиэхэ оттоһуом дии санаабытым - уол эппитигэр кыыс махтаммыттыы көрдө.
Мин эмиэ эйигин …- диэн иһэн кыбыстан ситэ саҥарбата. Саалаах дьон манаан олорор диэтэххэ уол кыһамматын, куттамматын сөҕө санаата. " Тапталлара диэн
оннук күүстээх буолуо дуо?”Герасим кыыһы күүтэ сатаан баран ,суолун батан, баран истэ. Тохтоон иһиллээтэ. Арай кимнээх эрэ, ботур - итир кэпсэтэллэр. Өйдөөн көрбүтэ били кыыстаах уол кэлэн иһэллэр.
Түүрэй хомуһуннаах ойуун. Бөдүргэй диэн баай киһи, кыыһын ыйыта кэлбитин, кыыс буолумматаҕар ,онон - манан баайсан ойууну кытта сууттаһа сылдьыбыта. Дьоҥҥо сымыйанан көрүүлэнэн, бэрик ылла диэн үҥсүбүт. Ону тута кэлбиттэр. Түүрэй ойуун кыһаммакка олорор эбит. Тардыалыы сатаабыттар оҕонньор силир курдук эбит. Уһугулаан акка холбоноору гыммыттара, аттара сиргэнэн кулгааҕа чөрөҥнүүр, таныытын тыаһа тардырхыыр. Ойуун илиитигэр өтүүнү баайаары чугаһаабыттара ,өтүүлэрэ эриэн үөн буолан кыймаҥнаан ,бэйэлэрин муомахтаабыт. Онтон оҕонньордоро, чөҥөчөккө кубулуйан хаалбыт. Дьэ онуоха ыксаан атахха биллэрбиттэр. Үрдүлэринэн суор, тураах бөҕө арыаллаабыт, ойоҕосторунан бөрөлөр сундулуһаллар. Ол Түүрэй ойуун түүрэйдээбитин кэнниттэн ,ким да бу алааска мээнэ кэлбэт , Кинээс да аанньа ахтар буолбут. Арай улахан кыһалҕалаахтар эрэ эмтэнээри, дьалбыттараары эрэ кэлэллэр. Арай Бэргэн кэлбитэ, уонна ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо буолан икки бэһиэччик кэлбитин биирин куоттардылар, иккиһэ балаҕаҥҥа хаалбыта, онтубут хайдах буолар.
Балаҕаҥҥа кэлбиттэрэ иккис нуучча ,ханна эрэ суола сойбут. Бадаҕа атахха биллэрбитэ эбитэ дуу, эбэтэр аара чуҥнаан көрөн, кинилэр быһылааннарыттан дьаадьыйан , Герасимы булсубут буолуон син. Ол эрээри Бэргэн ,син биир сэрэҕин сүтэрбэтэ. Эмээхсин эмис тайах этин олгуйга лыгыччы буһаран кэбистэ. Ньургуһун билигин хаппахчытыгар кирийэн сыппат. Тахсан ийэтигэр көмөлөһөн букунайар. Бэргэн диэки истиҥник “кылап” гына көрөн ылар. Түүн били ороспуойдар биллибэтилэр. Сарсыарда чэйдээн баран Түүрэйи кытта Бэргэн тайахтарын этин, баран ыырдан аҕаллылар.
Бэргэн бу ыалга, хас да күн өрөөн оттосто. Аҕыйах сүөһүлэригэр кыстыыр отторун булуннулар. Бэргэн бастаан көмүһүн ханна илдьэн туттарарын, тугу гынарын токкуйдаан ону эрэ санаа - оноо оҥосторо, билигин өйө санаата барыта Ньургуһуҥҥа буолан, көмүһүн туһунан умна быһыытыйбыт.
Ньургуһун чэ мин дойдулуурум кэллэ. Уонна хаһан көрсүөхпүтүй?
Билбэтим мин түҥ тыа кыыһа, хантан быһаарыахпыный. Эн киэҥ сиргэ тиийэн умнар инигин.
Тоҕо умнуохпунуй, умнуом суоҕа - уол кыыһы кууһан уураата. Ньургуһуҥҥа хаһан да буолбатах, дьикти абылаҥнаах итии сүүрээн иилии кууста. Уолга бүүс бүтүннүү бас бэриннэ.
Бэргэн айаҥҥа турунаары бэлэмнэннэ, кистээбит көмүһүн чугаһаппыта. Ньургуһун өрүскэ киирэн уолу атааран биэрдэ. Элиэнэ эбэ ,дохсун балхаанын тохтотон чуумпурбут. Сиэркилэ курдук ньууругар уйдаран, Бэргэн тыынан уста турда. Ньургуһун далбаатыы хаалан, ыраахха дылы батыһан көстүбэт буолуор дылы көрөн турда.
Кэм кэрдиис түргэнник элэстэнэр. Уол барбыта уонча күн кэнниттэн, Ньургуһун өрүскэ киирэн сэмээр Бэргэнин кэтэһэр. Үчүгэй да күннэр ааспыттар, Ньургуһун ийэлээх, аҕатынаан оттуулларын сылаарҕыыр аҕай этэ. Хотууртан, кыраабылтан ,атырдьахтан ытыстара хабыллан тахсара. Ол иһин от кэмэ кэллэҕинэ, ыараханнык көрсөллөрө. Билигин Бэргэн кэлэн көмөлөһөн өр гымматылар. Ньургуһун Бэргэнниин мэлдьи да оттуу сылдьыан баҕарар курдуга. Ол курдук күннэр түргэнник ааһа охсубуттара. Тайахтарын этин тото - хана сиэн сороҕун, сайын аһааҕырыа диэн билэр дьонугар бэрсибиттэрэ. Кыыс уолу сөбүлүөн быатыгар, бары өттүгэр дэгиттэрэ, үлэни кыайара - хоторо. Булт кинини сырса сылдьар курдуга, бүүчээни, мас көтөрдөрүн, улары ,куртуйаҕы, бөчүгүрэһи таҕыста да ытан киллэрэрэ. Онон кини баарыгар астарынан тутайбатахтара.
Кыыһа өрүһү манаан эрэйдэнэрин көрөн, ийэтэ аһынан уолу умнарыгар баҕарара.
" Тоойуом кэпсэтиилэриттэн иһиттиҥ ини. Ити уол тайҕаҕа үлэлээн кэлэн иһэр, көмүһэ элбэх
быһыылаах. Көрбүтүҥ дии ороспуойдар көрдүү сылдьалларын. Ити уолу аара кинилэр муокастыахтарын да син. Кинилэртэн мүччү түспүтүн да иһин, көмүһэ элбэх киһини куорат сиргэ ,араас кыргыттар элбэхтэр. Талбытын булан ылыаҕа. Түҥ тыа сиригэр бүгэн олорор дьоҥҥо биһиэхэ, хата кыһаммат дьон буолуо " - диэн эмээхсин кыыһыгар сүбэлээн этээччи буолан эбии иэдэттэ. Кыыһа сыттыгар умса түһэн сытан , ытаан санна дьигиҥнээтэ. Уонна эмискэ олоро биэрэн,уларыйан хаалбыт куолаһынан ыйытта.
Ийээ эн аҕабын кытта хайдах холбоспуккутуй?
Ол аата ?оттон ыал ыал курдук…
Суох ону эппэппин. Бэйэ бэйэҕитин таптаһан холбоспуккут дуо? - кыыс ытаан иэдэһинэн сүүрбүт хараҕын уутун, сиэҕинэн хаһыйар.
Туох таптала кэлээхтиэй тоойуом, төрөппүттэрбит икки өттүттэн сүбэлэһэн, хаһан да харахтаабатах киһибин аҕалан холбообуттара да бүппүтэ. Иккиэн түөрт уоммутугар холбоспуппут ,онтон ыла син эн мин дэһэн олороохтуубут.
Ийээ ол аата эһиги таптал диэни билбэккэ, мээлэ холбостоххут дии. Сааһыран эрэллэр диэн холбуу оҕустахтара. Онтон миэхэ итинник этэриҥ, билбэт буолан ,бэйэҕэр чэпчэки миэхэ ыарахан.
Оттон ити өрүскэ күн аайы киирэн күүтэҕин быһыылаах дии. Оҕом эрэйдэнэрин көрөн, аһынан этэбин дии тоойуом. Син биир кэлиэ суоҕа, оччоҕо эбии эрэйдэниэҥ.
Итинник диэҥҥин мин санаабын эбии кэбирэтэҕин! - Ньургуһун оронугар эмиэ умса түстэ.
Элиэнэ эбэ дохсун долгуннара эҥсиллэр. Кыһыл мыраан кылдьыытын кэнниттэн, өгөрөҥ ардах хара былыттара устан таҕыстылар. Сүллэр этиҥ сааллан дьигиһиттэ. Силлиэ түһэн силлиэрдэ, буурҕа түһэн бурҕатта. Этиҥ лүһүгүрүүр эмиэ да, киһи куйахата күүрүөх, тааһы тааска аалардыы хачыгыратта. Ардах ыаҕастаах уунан ыһардыы кутта. Бэргэн тыыта айаас аттыы мөхсөн, өрүтэ түллэҥнээтэ. Кытыл диэки эрэйинэн эрдэн чугаһаата. Оргуйан будулуйа сытар Элиэнэ эбэ үөс диэки, мэҥиэстэ сатыырдыы тардар. Онтон буруйа сытар эҕэлээх сиргэ кэлэн, тыыны эргитэн кытылга бырахта. Бэргэн таҥаһа илийэн ,ыттыы титирээн тииһэ тииһигэр ыпсыбат буолла. Тыаҕа тахсан хаххаланна. Таҥаһын ыктан куурдунна. Халлаан сарсыарданан былыта халлан ,ырааһыран күн мичиличчи тыкта. Бэҕэһээ силбиэтэнэн, дапсыммытын мэлдьэһэн кэбиспит.
Ол курдук айаннаан Бэргэн Аанньаах куоратыгар тиийбитэ. Көмүһүн тыаҕа кистээн, түөрт гыммыт биирин илдьэ кэлбитэ. Баһаарга тиийэн дьонтон ыйытан туттарбыта. Сиэбэ хачыгырас харчы буола түспүтэ. Сороҕо баппатаҕар көмүс туппут киһи, халаабыс курдук тирии мөһөөччүк биэрбитигэр онно уктубута. Саатар кумааҕы харчыта тоҕо улахаттарай ,киһи ытыһын сабырыйар. Бэргэн дьоҥҥо биллэрбэт гына туттан уулусса устун, баһаарга тиийбитэ. Дьон ас таҥас эгэлгэтин атыылыыр эбит. Табаардарын батараары уолу итиннэ тардаллар, манна ыҥыраллар. Бэргэн Ньургуһунугар таҥас бөҕөнү атыыласта. Бэйэтэ эргэ таҥастарын устан ,ытыар дылы маанымсыйда. Сиэркилэ диэннэригэр көрүнэн ,этэргэ дылы бэйэтин нэһиилэ биллэ. Ньургуһунугар тутаахтаах төгүрүк сиэркилэ атыыласта. Дьахтарга туох киэргэл баарын, барытын сыҥалаан атыылаатылар. Этиэҥ эрэ кэрэх тылгыттан ыйааста түһэллэр.Уол харчылааҕын билэн араас дьон, билсиһэ куомуннаһа сатаатылар. Хаартыга ыҥыран хаайаллар. Хата биһиги дьолбутугар, сүрүн дьоруойбут хаартыны сатаабат буолан биэрдэ.Хаартыга умайбыт элбэх. Бадаҕа баай уол сылдьар диэн, нуучча чэпчэки кыргыттара, уолбутун кабакка илдьэ сатаатылар. Биһиги уолбут кыккыраччы батынна. Куорат дьалхааннаах дойду эбит диэн салынна. Тыаҕа дойдутугар тахса сылдьан баран , Ньургуһунугар барар санаалаах. Кытылга сайыһа көрөн хаалбыт, чох хара харахтары санаатаҕына ,ыксаан киирэн барар. Тиийдэҕинэ сүгүннэрэн аҕалар санаалаах. Харчылаах буолан баран дьиэни оҥостон эрэйдэм эккэ, атыылаһан ылар санаалаах. Таптыыр сэгэрин Ньургуһуну сиэтэн илдьэн, ханнык дьиэни ылалларын талларыа. Түҥ тыа кыыһа самнайбыт балаҕантан ураты, маннык улахан таас түннүктээх, ампаардыы охсуу эркиннээх, дьиэлэри көрө илик буоллаҕа. Бэргэн уол ыра санаатынан кынаттанан, ыллыан туойуон баҕаран кэллэ.
Ньургуһун бүгүн эмиэ кытылтан таҕыста. Элиэнэ эбэ киэҥ киэлитин ньууругар ,тус хотуттан былахы саҕа туох эрэ устан иһэрин өр даҕаны күүппүтэ. Онто атын оҥочолоох дьон буолан биэрбитэ. Сороҕун бэчимэлээн айаннаан, өрүһү өксөйө турбуттара.
Биир күн кинилэргэ
Токоорой оҕонньор уолунаан кэлбиттэрэ. Ыйаастыгас харахтаах ,халыҥ иэдэстээх уол Ньургуһуну көрөн ымах гынара, батыһа көрөн хаалара. Олорон эрэ мээнэ күлэн ,сыһыгыраан барыан аҕата “ходьох” гыныар диэри ойоҕоско анньара.
Ньургуһун хаппахчытыгар сыттаҕына ийэтэ киирдэ.
Тоойуом ыалдьыттары кытта баран
чэйдиэх.Суох ийээ, мин топпун.
Эйиэхэ кэлбиттэр ээ тоойуом.
Миэхэ тоҕо кэлэллэр, мин ыҥыртаабатаҕым. Мин кинилэри билбэппин.
Эйигин ыйыталлар.
Ыйыппатыннар мин таптыыр уоллаахпын! - кыыс ийэтигэр буолуммата.Токоорой оҕонньор уолунаан ,таһырдьа тахсыбыт кэмнэригэр ийэтэ аҕатыгар эттэ:
Оҕонньоор кыыспыт буолуммат.
Ол кини буолунара буолуммата, көҥүл үһү дуо?! Кыыс оҕо бастаан эрэ итинник буолуо , эр киһи сыһыттаҕына үчүгэй буолуоҕа ! - Түүрэй ойуун кыйахаммыт киһи быһыытынан ,үгэһинэн сэпсигир ньуолах бытыгын, мускуйан барыахтыы, холустук имэриммэхтээтэ. Ийэтэ кыыһын төһө да аһыннар хайыыр да кыаҕа суоҕуттан ,үөһэ эрэ тыыммахтаата.
Тэрэппиинэптэр уоллара мааны таҥастаах ,байан тайан кэлбитигэр үөрүүлэрэ муҥура суох. Бытырыыс курдук кыргыттар, уолаттар сэрбэкэчиһэн кэлэн убайдарын кэһиитин үллэстэллэр. Биир обургу уоллара Куллуруут баайга оттоһон ,ат сиэтиэх буолан курупчаакы бурдук ,көрдүү барбыта да мэлийэн кэлбитэ, хата убайа Бэргэн байан - тайан кэлбит эбит. Бэргэн ыал улахан оҕото. Элбэх оҕолоох дьадаҥы ыаллар.
Убаай эн үлэлээн харчы оҥордуҥ дуо?
Биһиэхэ аспыт мэлдьи баар буолар дуо?
Уонна ыалтан умналаабат инибит, кыбыстабын - онтон мантан ыйытык элбээтэ.
Суох умналыаххыт суоҕа - ыран харахтара эрэ чоҕулуһар балыстарын, сурдьуларын аһынан Бэргэн хараҕын уута ыган кэлбитин ,көрдөрүмээри түҥнэри хайыста. Ийэлээх аҕата уолларын үөрэ көрүстүлэр эрээри, истэригэр тоҕо эрэ ытырыктата санаатылар.
“Тэрэппиинэптэр уоллара хантан эрэ байан кэлбит. Кыттыгастара сураҕа суох сүппүттэр. Бадаҕа дьыала иһэ хараҥа…” " Куоракка дьиэ ылыммыт үһү “диэн сурах нэһилиэги тилийэ көттө. Устунан нэһилиэк кинээһин кулгааҕар тиийдэ. Баайдар мустаннар : " Көр да маны ханнык эрэ кумалаан хантан хайдах эмискэ байда?!” . " Кыттыгастарын ханна гынаттаабытын ыгыахха !" " Бэйи куоракка тыллаан дьыалата тэрийиэххэ “- диэбиттэрин чаччыына кэпсээбитэ этэрбэс тыастара онно - манна тибигирэһэн тарҕата оҕустулар.
Токоорой оҕонньор уолунаан эмиэ хонор буоллулар. Ньургуһун аралдьыйаары эмиэ өрүскэ киирдэ. " Бэргэн кэлэ охсоро буоллар, баҕар туох эмит уларыйыы тахсыа этэ. Бу дьон араҕыа суохтар. Саатар ийэм да миигин өйдөөбөт " - Ньургуһун киирэн эрэ күн уотугар, мэндээрэр Элиэнэ эбэтин көрөн туран саныыр. Ол турдаҕына Токоорой уола Бэдирик кэллэ.
Судаарынньа траттуччи баар ! - диэн малах гынан абаҕыыты үтүктэн нууччалаабыта буолла. Аҕата кинини биир судаарыскайга, үөрэтэ сылдьыбыта баара. Уол итинник саҥалаах дьон үрдүк сололоох, курдук көстөллөрүн курдук саныыр. Ньургуһун уол ити быһыытыттан күлэн мичик гынна, онуоха Бэдирик " кыыс мин кэлбиппэр үөрдэ " дии санаата.
Эрэкаа ырыыба манога дуу?
Балык эрэ эгэлгэтэ ини. Сэмсииллэр дии оттон.
Майаа таам ырыыба пайымаал - диэн хой баһын кэпсээн нууччалаабыта буолар. Аҕабыты үтүктэн " чыырк !” гына силлиир , кыыс аттыгар мөтөһүйэ хаамыталыыр.
Моя это кто? Однако у тебя есть девушка? Тогда почему кнам пришел? - кыыс соруйан ыраастык нууччалаан өссө да элбэҕи эппитигэр, Бэдирик хараҕын муҥунан көрдө. Кыбыһынна. Түҥ тыа быыһыгар олорор кыыска нууччалаан үтүөтүк көстүөм диэбитэ, кыыһа кимнээҕэр нууччалыы ыраастык элбэҕи саҥарда.
Эн..эн хантан нууччалыы билэҕиний?
Ийэм үөрэппитэ. Куорат сиртэн төрүттээх.
Ээ сөп - Бэдирик нууччалымсыйбыта суох буолла.
Оҕолор убайдара байан - тайан кэлбитигэр үөрбүттэрэ аҕай. Ол үөрүүлэрэ уһаабата, дьадаҥы киһи байбытын баайдар сөбүлээбэккэ, ордук санаан мирэбиэй судьуйаҕа үҥсүбүттэрин, икки хорохоот кэлэн Бэргэни Аанньаах куоракка тутан киирдилэр. Ис дыала сандаарыма (жандарм) Бэргэни доппуруостаата. Уол нууччалыы мөлтөхтүк да буоллар хоруйдаста. Көмүскэ үлэлээн кэлэн истэхтэринэ, ороспуонньуктар сабы түһэн халаабыттарын, икки кыттыгаһын өлөртөөбүттэрин кэпсээтэ. Кэнники бэйэтэ иэстэһэн, көмүһүн төттөрү ылбытын, ону сойуолуулларын кэпсээбэтэ.
кэбистилэр." Көмүскүн халаабыт буоллахтарына хайдах байдыҥ ?" - диэн ыйытыкка. " Ороспуонньуктар үллэстибиттэрин кэннэ биир киһи, бэйэтин өлүүтүн кистээбитин, тыаҕа чуҥнуу сылдьан булбутум. Бэйэм үлэлээбит көмүһүм буоллаҕа дии" - диэн уол арыый ханарытан кэпсээтэ . Сандаарым уолу итэҕэйбит курдук буолла эрээри, босхолообото. Эрэһээҥкилээх хосхо хаайан, хатаан
Эһиги биһиэхэ туох соруктаах кэллигит ? Туох кыһалҕата кыпчыйан аҕалла? - Ньургуһун Бэдириктэн ыйытар.
Отто…отто аҕам эйигин кэргэн ыйыта … - Бэдэрик килиэр - халаар көрүтэлиир.
Өссө аҕаҕар диэ ?
Суох аҕам эйигин миэхэ ыйыта.
Оттон бэйэҥ кыайан ыйыппаккын дуо? - кыыс көрдөҕүнэ Бэдирик наһаа күлүүлээх - сааһыҥ хаскыный?
Мин доо?
Эн доо!
Отут ордугуна биэс - Бэдирик туоҕу эрэ суоттаан эрэр атыыһыт курдук, уон тарбаҕын саратын ааҕан эрэрдии туттар.
Итиччэ саастаах эрээри аҕаҕынан ыйыттараҕын дуу , бэйэҥ тылыҥ суох дуо? - кыыс күлэн иһэн айаҕын сабы туттар.
Оччоҕо бэйэм ыйытабын дуо?
Ыйыт.
Эн миэхэ ойох тахсыаҥ дуо?
Суох!
Тоҕо?
Бэйэм таптыыр уоллаахпын.
Кини кимий? - Бэдирик оонньуурун былдьаппыт оҕо курдук сирэйэ мэрбэҥнээтэ. Дьэбин уоһуйда.
Ону бэйэм эрэ билэбин.
Ол таптал диэн туохпутуй эмиэ?! Дьон таптаспакка эрэ ыйытан баран, холбоһон олороллор дии - Бэдирик булдун ытаары ,кыҥаан эрэр киһи курдук кыыһы одуулаһар.
Судаарыскайдар этэллэринэн ол хараҥа быһыы. Киһи ис санаатын билбэккэ, ыллыҥ даҕаны холбооттоон кэбиһэр сиэргэ баппат быһыы.
Холбостоххо ороҥҥо таптаһыы баар буолуо дии - Бэдэрик туох эрэ минньигэһи ыйыстан эрэрдии ,дьүккүк гынар. Уонна кыыска туох баайдаахтарын барытын кэпсиир. Баай туһунан кэпсээтэҕинэ кыыс сөбүлэһиэн курдук саныыр.
Миэхэ эһиги баайгыт наадата суох ! - кыыс дьиэтин диэки хаамта.
Ньургуһун дьиэтигэр кэллэ. Кэнниттэн Бэдирик киирдэ. Киэһээҥи астарын ,чэйдээри олордохторуна, эмискэ үлүгэр икки, сирэйдэрэ бар түү нуучча, сулбу ойон киирдилэр. Биирдэһэ саалаах.
" Стояять! Ни с местаа !" диэн Герасим ,балаҕан өһүөтүн буора саккырыар диэри сарылаата. Токоорой оҕонньор өмүрэн: “Бачах күтүр кыһыл сирэй, күөх харах! Татат күтүр , киэр кэбэлий түү сирэй !” - диэбитинэн ,тайах маһын саа курдук тутан үтүктэн ,өрө тэйиэккэлээн турбутун ,түөскэ кэбэн түһэрдилэр. Бэдирик куттанан титирэстээтэ. Нууччалар Бэргэн ханна баарын ыйыттылар. Онтон Герасим Бэдириги саанан тирээтэ.
А этот еще кто такой? !
Эта йаа. Бришел броста жинаа проси.
Аа жениться пришел на этой красотке? А ну вышли все !! - Герасим дьиэни чүүччэйээри эбитэ дуу, барыларын таһырдьа үүртэлээн таһаартаата. Түүрэй ойуун олорбутун курдук олорор. Герасим ойууну сууллары тардан түһэрдэ. Соһон иһэн көрбүтэ арай, оҕонньору буолбакка уолугунан айахтаах, оройунан харахтаах, илэ абааһыны соһо сатыыр эбит. Герасим оччолооҕу көрөн баран, сарылаабытынан таһырдьа баар буолла. Ойуун хомуһунун киллэрэн хараҕын баайбыт эбит. Нууччалар иккиэн атахха биллэрдилэр.
Токоорой оҕонньор туох буолбутун ,ситэ өйдөөбөтө даҕаны. Онуоха дьиэлээхтэр, ити нууччалар кими көрдүүллэрин быһааран кэпсээтилэр. Токоорой уолунаан хонуохтаах этилэр да, ити ороспуойдар баҕар иккиһин кэлиэхтэрэ диэн тэскилээтилэр. Дойдулуур суолларын туттулар. Бэдирик кыыска иҥээҥниир да, санаата сүппүт курдук буолбут. Аттарын мас көлүөһэлээх тэлиэгэлэригэр көлүнэн, суолга киирэн кыыкырдата турдулар. Мас көлүөһэ туох аанньа буолуой ,уҥунуоҕа суох буолан дьиэ халҕанын аанын иэччэҕин курдук тыаһыыр. Иһийэн турар чуумпуга, тыаҕа өй дуораана эҥсиллэр.
Барбахтыы түспүттэрин кэннэ суолга арай, били баарыаҥы нууччалар тураллар.
Бэдирик бастаан көрдө " Уоспадьыы памыылый !" - диэн ботугураан баран кириэстэннэ.
Аҕаа эмиэ өмүрээйэҕин эрэ, били баарыаҥы бэһиэччиктэр суолга тураллар - диэн аҕатын сэрэттэ. “Эмиэ өмүрэн татакалаан оройго бэриллиэ” дии санаата. Токоорой уола эппитигэр " ходьох !" гынан тэлиэгэттэн охтон иһэн ,уолун санныттан хапсан ылла.
Стой тррр .вы куда путь держите ?! - Герасим аты тэһииниттэн харбаата. Ат сирэйэ бар түү киһиттэн тэһииркээн хаһыҥыраан ылла. Кулгааҕын чөрөҥнөтөр.
Нохоо дьэ үөрэхтээҕимсийэҕин аҕай дии. Ити нууччалары кытта кэпсэт. Үөрэхтээх оҥорбуппар, өлөр хаалар күҥҥэ, ити тумустартан ,үрүҥ тыыммын өллөйдөө. Күн сирэ күндү. Өссө да сири бааһырда сылдьа түһэр баҕа баар. Нууччалыы билбэппин, " өлөрөбүн " да
диэтэхтэринэ “сөп " дии туруоҕум - Токоорой уолугар имнэнэр.Траттуччи трусийаа - Бэдирик бэһиэччиктэр диэки малах гынар.
Бииргэ хонон баран дорооболоспут киһи курдук буоллаххыный? Сүгүн кэпсэт мээнэ ону - маны быктарыма! - Токоорой уолугар ботугуруур.
Что ты сказал ?! Кто трус ? - Герасим “ойуунтан куоппутун күлүү гынар дуу”- дии санаата.
Неээ йаа туруус нэ ыскасаал. Йа трук… трусья (друзья) ыскасаал - диэн Бэдирик көннөрөр.
Син өр ылахтаһан Бэргэни ыйыттылар. Аанньаахха барбытын Бэдирик кэпсээтэ.
“Биһиэхэ өйүөтэ уонна оҥочото аҕалыҥ !” - диэн бэһиэччиктэр ыктылар. Быстыахтара дуу, ойдуохтара дуу сөбүлэстилэр. Нууччалар аарааҥы дылы тэлиэгэҕэ олорсон барыстылар. Түөрт киһини уйбакка, тэлиэгэ хачыгырыыра эбии улаатта. Нэҥсиэҕэ ыһыллан хаалыах курдук . Ат түҥкүр - таҥкыр суолга ыарырҕатан түллэ , түллэ иннин диэки дьүккүйэр. Түөлбэлэригэр чугаһаан баран, нууччалар хааллылар. " Кинээскитигэр ,кулубаҕытыгар тыллыаххыт да сэрэниҥ !” диэтилэр. Бэдирик диэтиттэн ыһык - өйүө аҕалан биэрдэ.
Я лотка нэ нашел. Таам эрэкаа плот есть - диир. Онуоха нууччалар, сапсыйан баран бардылар. Киэһээ боруҥуйбутун кэннэ кытылтан ким эрэ оҥочотун илдьэ бардылар.'
Бэдирик аҕатынаан дьиэлэригэр кэлбиттэригэр, ийэлэрэ ыйыта тоһуйда.
Дьэ хайдах сылдьан кэллигит ? Оҕом сөбүлээтэ дуо? - лаппычах курдук намыһах суон эмээхсин, түөрэҥэлээн кэлэн холумтаҥҥа өйөнөн туран ыйытар. Кыыс сөбүлэҥэр кыһаммакка уолун сөбүлэҥин ыйытар. Уоллара ааргы да соҕус буоллар, харчы төлөөн үөрэттэрбит буоланнар тэҥнээҕэ суоҕун курдук саныыллар. Ханнык эрэ дьадаҥы кыыска биэриэхтэрин, дьиҥэр баҕарбатахтара. Ойууҥҥа тиийэн хаһан баҕар, эмтэниэх баҕатыгар эрэ сөбүлэспиттэрэ.
Сириллэн кэллим ийээ - Бэдирик тигээйигэ тиктэрбит киһилии, сирэйин мырдыччы туттар.
Хайыаа! ол мин оҕобун сирэр - талар, оннук үлүгэр сытыйа байбыт дуо!? - Эмээхсин барытын баай быһаарыахтааҕын курдук этэр.
Таптыыр уоллаахпын диир - Бэдирик кыра эрдэҕинээҕитинии уоһун толлоччу туттар.
Тапталлаахтар баҕастаахтар, онто - манта суох, сүөһү курдук холбооттоон кэлбиттэрэ. Кэпсээ эрэ оҕонньоор ол хаһааҥыттан, кыыс оҕо барытын быһаарар буолбутай? Эбэтэр эн миигин таптал көмөтүнэн ылбытым диэххин баҕараҕын дуу!?
Тугу туойа олороҕун нойоон, отон кыыһы кытта өрүстэн, ыттаччы ырбайан тахсыбытыҥ дии - " сириллэн кэллим " диэннээх. Миэхэ тоҕо эппэтэххиний? Мин " үчүгэйдэттибит быһыылаах " дии санаабытым - Токоорой уолугар этэр.
Ол кыыс миэхэ " таптыыр уоллахпын " диэбитэ.
Ол хаһааҥыттан кыыс быһаарар буолбутай? Оттон оҕонньоор Түүрэйи кытта кэпсэппэтэҕиҥ дуо? Оччотугар тоҕо хоно өрүү сыттыгыт?! - ийэлэрэ кыттыһар.
Дьарҕам көбөн ыарыыбын эмтэтээри. Уонна оттон тыыннаах кэлбиппитигэр махтал. Икки ороспуонньуктар сабы түһэн, ыттыы ытыалыы сыстылар.
Бай ол кимнээҕий ? - эмээхсин соһуйар.
Көмүстэн кэлэн иһээччилэр ини, хас бандьыыты билиэхпиний. Тыаҕа чуҥнуу хаалбыттара. Баҕар манна да киирэн кэлиэхтэрэ - Токоорой эмээхсинин куттуу түһээри ,сүрдээн - кэптээн кэпсиир. Эмээхсин киһи эрэ буоллар салынна. Аанын хатаан халыр гыннарда.
Дьэ сатаммакка кэлбиккит.
Ол иһин этэбин дии. Тыыннаах кэлбиппитин иһин, үөрүөххүн билиминэ үөхсэҕин. Кыыс ханна куотуой нам - нум буоллахха баран ыйытыллыа буоллаҕа. Устугас бэһиэччиктэр аһара өр буолбаттар ини - оҕонньоро эппитигэр эмээхсинэ саҥарбата.
Бэргэни Сандаарым, хаамыраттан таһааран доппуруостаабыта. Доппуруос диэн буолуо дуо, кулгааҕар дылы ырбайан отой атын киһи этэ. Бэргэн өйдүүрүнэн бэрик биэрдэҕинэ, босхолуох курдук ымманыйара. Уолга эгэ эрэ маннык наада этэ. Харчы төлөөн түрүмэттэн тахсыбыта. Нэһилиэгин кулубата маны сөбүлээбэтэҕэ , ол эрээри үҥсэригэр үрдүкү суукка Бэргэн төлөөбүтүн саҕаны, кыайан төлөөбөккө суут буолбатаҕа. Бэргэн дьыаланы барытын, харчы быһаарарын өйдөөбүтэ.Баайдаах буоллаххына, суут даҕаны эйиэхэ хаптаҥныы түһэрин билбитэ. Ол иһин Аанньаах куоракка, ураты улахан дьиэни атыыласпыта. Икки эмис аты атыылаһан Ньургуһунугар, айаннаары хомуммута. Ийэлээх аҕата үөрбүттэрэ да, кулуба эмиэ үҥсүө диэн куттаналлара.
Убайдара байан тайан кэлээтин оҕолор , ырбыт дьүдьэйбит көрүҥнэрэ сүтэн , сирэйдэрэ харахтара көммүтэ, таҥастара саптара уларыйан үөрүүлэрэ муҥура суох.
Аҕаа эн ити кулубаҕа төһө өр үлэлээбиккиний? Уонна төһөнү төлүүр этэй?
Хайаары гынаҕын ?
Баран быһаарса сылдьыам этэ.
Кэбиис нохоо. Саатар эрэ босхолоотулар, диэн күлүккэр имнэн. Абааһы дьонун кытта аахсыма, биһигини эрэ таарыйбатыннар - аҕалара тойонтон куттана үөрэммиччэ саллар.
Кэпсээ аҕаа куттаныма - уола сирэйэ хараҕа турбутун көрөн аҕата сөхтө. Бэргэн оҕо сырыттаҕына, кулуба аҕаларын сынньан да кэбиһэрэ. Үксүн төлөөбөккө босхо кэриэтэ үлэлэтэрэ. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан эрэ олороохтууллара.
Бэргэн киэһэлик кулуба дьиэтигэр тиийдэ. Хара дьиэттэн хамначчыттар тахсан мааны уолу,сөҕө махтайа көрүтэлииллэр. " Байан кулуба дьиэтинэн эрэ сылдьар буолбут дуу " - дии саныыллар. Сөҕүөхтэрин иһин Бэргэн хара дьиэҕэ киирдэ. Хамначчыттар олохторун ыйыталаста. Онтон кулуба дьиэтигэр киирдэ. Кулуба эһэ тэллэххэ даххаһыйан сытар. Уол киирбитин көрөн ыадастан турда. Өтөрү - батары көрөн самнарыахтыы туттунна.
Туох буолан мин уораҕайбын өҥөйдүҥ?!
Миэхэ туохпун былдьатан сууттаһа сатыыгын?!
Бэйэм билэбин!
Аҕабын албыннаан хас сылы ,босхо үлэлэппиккин билэҕин дуо?! Быһаарсыахха! Сууттаһар буоллаххына сууттаһыах! Нэһилиэги сүгүн салайбат буоллаххына эйигин уһултаран баран, бэйэм олоруом. Өйдөөтүҥ дуо? - Бэргэн оҕо эрдэҕинээҕи атаҕастабылын санаан кэллэ. Хоргуйаары ыксаан бурдук көрдөһө кэлбитин бу кулуба, саҕатыттан таһырдьа бырахпыта эмиэ баара.
Тукаам туох буолан уордайан кэллиҥ? Кэбис бэйэ ыккардыгар иирсимиэххэ, үҥсэ - харса сылдьымыахха. Харах көс мөлтөөбүт..эн..эн эбиккин дуу. Киир аас күндү ыалдьыт буол - кулуба уол эппититтэн чаҕыйан дьүһүн кубулуйа түстэ. Бэргэн “кэпсэтии бүттэ” диэбиттии тахсан барда.
Сарсыныгар “Тэрэппиинэптэр уоллара Бэргэн, кулубаны күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр киллэрэн, үттү күргүйдээн барда” - диэн сурах тарҕанна.
" Балык ыамнаах киһи кэмнээх, киһи үрдүгэр киһи баар" . “Кулуба дьон у атаҕастыыра, аньыыта харата таайдаҕа дии “.
Бүгүн Бэргэн эмис акка олорон, айаҥҥа турунна. " Элиэнэ эбэ кытылын устун өрө айаннаатахха тиийэр инибин “- дии санаата . Ол да буоллар үрэхтэр мэһэйдээннэр , сороҕун тыа быыһынан айаннаан истэ. Саҥа атыыласпыт субуйааҥкы
саатын сүгэн иһэр.
Ньургуһун эмиэ Бэргэни күүтэн, өрүскэ сырыттаҕына ийэтэ ыҥырда. Кыыс дьиэтигэр киирбитэ эмиэ Бэдирик аҕатынаан кэлбит. Ньургуһун хаппахчытыгар киирэн сытынан кэбистэ. Аҕата киирэн кыыһын Бэдириккэ ойох таҕыс диэн этэр. Кыыстара туох да иһин буолуммат. Түүрэй ойуун кыыһын күүс өттүнэн ,эбэтэр хомуһун көмөтүнэн биэриэн эмиэ да аһынар.
Ол кэмҥэ Ньургуһун ийэтэ таһырдьа тахсыбыта, арай атынан Бэргэн кэлэн иһэр. Эмээхсин утары хааман тиийдэ.
Туохха кэллиҥ? - Эмээхсин билэр да буоллар ыйытта.
Үтүө күнүнэн. Мин оттон кыыскытыгар Ньургуһуҥҥа кэллим. Олус өр күүттэрдим быһыыта. Хойутаан хааллым.
Суох …суох тукаам..төнүн итиннэ кииримэ. Кыыспыт кэргэн таҕыста кэлэн ыйыппыттара - диэтэ. Бэргэн алҕас истибитим буолуо диэн иккиһин ыйытта, хомойуох иһин кырдьык эбит. Бэргэн аат эрэ харата атын төттөрү салайда. Ат ону эрэ күүппүттүү дьоруолаан төбөтө туллаҥалаата.
Бэргэн соторутааҕыта эрэ үөрэн - көтөн испитэ, мэктиэтигэр чыычаах ырыатын иһиллээн дуоһуйа истэрэ. Тулатынааҕы тыата барыта киэркэйэн көстөрө. Билигин барыта дьэки курус буолбут. Хараҕа ууланан күөх харыйалар дьиримнээн көстөллөр. " Кыыспыт кэргэн тахсыбыта” - диэн эмээхсин эппитэ, кулгааҕар ыарыылаахтык хатыланан тэһитэ кэйиэлиир курдук. Уол Ньургуһуннуун хайдах көрсүөхтээхтэрин хараҕар ойуулаан ,ыраланан испитэ баара. Кыыс аҕатыгар муоһунан оҥоһуллубут хамса ,мохуорка уонна ийэтигэр саал былаат уонна да атын кэһиилэнэн тиийэн испитэ.
Бу кэмҥэ Ньургуһун аҕата Токоорой оҕонньор уолугар кыыһын биэрээри олороро. Кыыс аҕатыттан хаһан да ааттаспатаҕын ааттаһан ытыыра - соҥуура.
Токоорой оҕонньор бүгүн эмиэ уолунаан Бэдириктиин, аҥнан - бохтон иккиһин төхтүрүйэн , Ньургуһуну ойох ыйыта бараары айгысталлар. Ийэлэрэ лаппычах курдук, суон эмээхсин хааһаҕы төкүнүтэн эрэрдии хааман түөрэҥэлиир.
Дьэ эмиэ бэйэҕит эрэ төннөн кэлээйэҕит ! Ол бу буолан эриссэн , таптал оонньуур дьон курдук буолумаҥ! Сүрүнэ диэн дьоно сөбүлэһэллэр. Ол кыыс кыҥкыйа диэхтээн. Эр киһини биллэҕинэ түргэнник сыһыйыа. Билигин эрэ кубулҕатырар !
Иньээ оо..оттон мандьыыттар барбыттара буолуо дуо? - Бэдирик ийэтигэр үҥсэн эрэрдии ыйытар.
Эр дьоҥҥут дии бэйэҕитин көмүскэниэххит буоллаҕа. Сэрэххэ сааҕытын илдьэ барыҥ!
Саанан сатаан ыппаппын иньээ. Аҕам үөрэппэтэҕэ дии.
Һуу дьэ бэрт доҕор! Көмүһү сырсыаккалаһар бэһиэччиктэр кими манаан сытыахтарай бардылар ини - дьэ итинник ийэлэрэ атаартаабыта.
Бу кэлэн олороллор. Бэдирик саныырынан таптал диэннэрэ бииргэ хоонньоһуу, уоннааҕытын ийэлээх аҕата быһаарыахтара. Күннээҕинэн олорор киһи быһыытынан, ийэлээх аҕата мэлдьи баар буолуохтара диэҥҥэ санаан да көрбөт. " Аҕаа ойохпун аҕаллахпына ханнык хоско утуйуохпутуй?” - диэн аара ыйыппыта. " Бастаан ойохтон ..онтон көстөн иһиэҕэ " - диэбитэ аҕата.
Түүрэй ойуун кыыһын хаппахчытыгар, киирэн баран тахсарын кэтэһэллэр. Токоорой оҕонньор хамсатын соппойбохтуур. Омурда уус күөрдүн курдук хапсыҥныыр. Уоһун орботон буруотун үрбүтэ, төгүрүк халаачык буолан көтөллөр. Ону Бэдирик күлэн тэһи барыахтыы ыгыстар. Уонна төгүрүк буруолары, тарбаҕынан ылыахтыы уунаҥныыр. Ону аҕата тоҥолоҕуттан ,күүскэ тардан " лах!“гына төттөрү олордор. " Оттомноох соҕус буол эрэ !” уолун кулгааҕар нөрүйэн кыбдьырынар.
Ол кэмҥэ Ньургуһун хаппахчытыттан сулбу ыстанан , таһырдьа таҕыста. Көрбүтэ алаас саҕатын диэки аттаах киһи баран эрэр.
Ийээ ол ким барданый?
Суох, суох ким да буолбатах.
Бэргэн буолбатах дуо?
" Суох ..суох “- диэбититтэн кыыһа туоҕу эрэ сэрэйдэ. Мастар быыстарыгар, киирэн эрэр киһиэхэ сүүрдэ.
" Бэргээн !” диэн үөгүлээтэ да истибэтэ.
Бэргэн алаастан тэйэн тыа быыһыгар, ханна эрэ Ньургуһун саҥата, кинини ыҥырбыта өй дуораана буолан эҥсиллибитэ. Уол кыыһы мэлдьи саныы сылдьар буолан, уонна аанньа утуйбакка " түлээгирэн бараары гынным дуу " дии санаата.
Ньургуһун тыа быыһынан сылайыар диэри сүүрэн баран, тохтоон чөҥөчөккө олордо. Төттөрү бараары атын суолунан, киирэн хаама турда. Кыыс ыксаан төттөрү - таары сүүрэккэлээн, суолун отой да сүтэрдэ.
Бэргэн таптыыр кыыһын Ньургуһунун, кыайан көрсүбэккэ төннөн иһэн, Түүрэй ойуун кутуруксут уолун утары көрүстэ. Кутуруксут уол, ойууҥҥа кэлэ бара сылдьар. Бэргэнниин көннөрү көрсөн билсэллэр.
Туох кэпсээн
Суох эйиэнэ. Хайа диэки бардыҥ? - Бэргэн уолтан ыйытар.
Ойууҥҥа баран иһэбин. Биир киһи ыалдьыбыт онно ыҥырдылар - Кутуруксут уол ойууҥҥа кыратык да үлэлэһэн айаҕын булунар.
Мин Ньургуһуну көрсө баран испитим этэ. Кэргэн тахсыбыт эбит дии.
Кини дьиҥэр эйигин күүтэр аҕай быһыылаах, өрүстэн арахпат этэ. Ону ити Токоорой баайынан мэҥиэлээн уолугар ойох биэрэ сатыыр курдук.
Күүстэринэн дуо?
Оннук курдук. Оттон эн бачча кэлэн баран тоҕо төнүннүҥ? Ис дьиҥин билиэҥ этэ буоллаҕа - диэбитигэр Бэргэн " Ол иһин даҕаны эрэйдээҕим сыыһа, төһө эрэ күүтээхтээтэ. Баҕар ытатан - соҥотон күүстэринэн биэрэн эрэллэрэ буолаарай. Төттөрү барыахха дуу тугуй?” - диэн саараан баран, Кутуруксут уолу, атыгар мэҥэһиннэрэн төттөрү барыста.
Тиийэн иккиэн балаҕаҥҥа киирдилэр.
Бэргэн киирээт даҕаны, дьиэлээхтэри кытта кэпсэттэ. Аҕалбыт кэһиитин биэртэлээтэ. Түүрэй ойуун сэлии муоһуттан оҥоһуллубут , мап - маҥан, кып - кылабачыгас хамсаны бэлэхтэтэн олус үөрдэ.Бэйэтин удьурҕайынан оҥоһуллубут хамсата,эргэрэн умайан да бүтэн эрэр. Онуоха холоотоххо бу таас курдук хамса эбит. Урут манныгы нууччаларга көрөн иҥсэрэр этэ. Бэргэн эбиитин мохуорка эрэ баһаамы аҕалбыт. Саҥа саппыйата тиийэ баар. Түҥ тыа сиригэр олорор ыалга бу боччум кэһии. Өрүһүнэн атыыһыттар ааһан иһэн, хам - түм арааһы атыылааччылар да, ол кэмҥэ ардыгар утары ууналлара суох буолан биэрэрэ.
Бэргэн кыыстара ханна баарын ыйыппытыгар , арба кыыһын ойох ыйыта кэлэн олороллорун санаан, үөрэн ыттайбыт сирэйэ уларыйда.
Эмиэ өрүскэ киирдэ ини - диэтэ Түүрэй. Ийэлэригэр Бэргэн халадаай ырбаахы ,саал былаат аҕалбытын хоһугар киирэн, имэрийбэхтээн баран чөкө уурда. Ыһыахха бардаҕына дьахталлартан ала чуо көстүүһү. Ол курдук эгэлгэ дьэрэкээн өҥнөөх эбит. Маннык таҥастары үөс сиргэ олорор, нуучча дьахталлара үксүн кэтэллэр. Ийэлэрэ Бэргэни кэлэн истэҕинэ, аара тоһуйан үүрбүтүттэн кэмсиннэ, оннук быһыытыттан кыбыһынна. Тахсан уолаттары чэйдэтэлээтэ.
Ыаллар Бэргэни дьиҥэр сирбэттэр, көрөн олорбокко санаатыттан үлэлээн - хамсаан эр бэрдэ буоллаҕа. Сырыыта даҕаны сүрдээх эбит. Онуоха холоотоххо Бэдирик аҕата этэринэн сылдьар, оттомо суох, ардыгар эмискэ солуута суох күлэн тэһи барар. Ону аҕата тоҥолоҕунан имнэнэр. Бииринэн кыыстара киниэхэ таҕыстаҕына эрэйи көрүүһү. Баайдарын туһугар дииллэр даҕаны, Бэргэн да дьадаҥыта суохтук көстөр. Онон ыаллар икки күтүөт тэҥҥэ кэлбититтэн икки саары икки ардыгар олордулар. Саатар Түүрэй Токооройго кыыһын биэриэх буолан эрэннэрбитэ баара.
Ньургуһун өрүскэ көстүбэт - диэн Бэргэн тахсан дьиэлээхтэргэ эттэ.
Көстүбэт дуоаа?!
Бай доҕор ханна барбыта буолла - диэн чугастааҕы эргин көрдүү сатаатылар да булбатылар.
Муммута буолуо дуо? - диэн эмиэ сүбэлэстилэр.
Ойууммун диигин дии бул ээ !- эмээхсин кыыһа сөбүлээбэт киһитигэр биэрэллэриттэн ол бу буолуон син ,дии санаан айманна.
Нохоо бар ойоххун көрдөө. Ойоҕуҥ сүппүт ! - диэн Токоорой бары истэллэрин курдук соруйан уолугар эттэ. " Ойоххун" диэн тылы Бэргэн ыарыылаахтык иһиттэ.
Һок! Сүппүт дуо? Ханна ! ? Мин ойоҕум дуо? - диэн Бэдирик дөйөн баран өйдөммүт киһилии халахайданна.
Оннук буолбакка!? Миэнэ дуо?! - Токоорой атын дьоҥҥо кыйахаммытын уолунан таһаарардыы өс саҕа буолла.
Бэдирик сибилигин булан ,сиэтэн аҕалыахтыы таһырдьа таҕыста.
Уолгун тохтот. Аны кини муммутун көрдүүрбүт итэҕэс буолуо. Күүттүн билигин бары барыахпыт - диэтэ Түүрэй ойуун.
Нохоо тохтоо кэл! - Токоорой тахсан соруктаах аҕайдык, тыа быыһын диэки бадьаалаан эрэр уолун үөгүлээтэ.
Оо…оттон ойохпун көрдөөбөппүн дуо?
Кэл диэтим! - Токоорой ордоотуур.
Ньургуһун суолун сүтэрэн ыксаата. Сүрэҕэ битиргэччи тэбэрэ, кулгааҕар иһиллэр курдук. Мээнэ иннин хоту барбахтыы түһээт, уоскуйаары чөҥөчөккө олордо. Эмискэ үрдүгэр суор саҥаран лоҥкунатар. Кыыс көрбүтэ харыйалар үрдүлэринэн, тэлээрбэхтээн баран, чугастааҕы куруҥҥа түһэр. Ньургуһун " баҕар аҕам миигин сирдэтэ ыыппыта буолуо " диэн суору батыста. Суор күүтэн сохсоллон олорор, онтон эмиэ көтөн күпсүйэн тиийэн ,күүтэн олорор. Ол курдук кыыс төгүрүк алааһыгар, киирбитин билбэккэ хаалла. Суорга махтанан илиитинэн сапсынна. Дьиҥэр кыыс аҕата ойууннуурун сөбүлээбэт этэ. Кыыран илгистэн ,көрүүлэнэн баран, дьабыныгар көтө сылдьан баран, хараҕын тиэрэ көрбүтүнэн сууллан түһэрэ дьулаан көстүү этэ. Дьону эмтииригэр күүһүн - уоҕун барытын биэрэр курдуга. Бу сырыыга аҕатыгар махтана санаата. Дьиэтигэр тиийэн көрбүтүн итэйбэтэ. Арай Бэргэн турар. Киниэхэ утары салгыҥҥа уйдаран сүүрэн иһэр курдук. Кыыс утары сүүрдэ. Тапталлаахтар куустуһа түстүлэр. " Түүл дуу илэ дуу?" " Суох илэ. “Иккиэн бу харахтара тырымнаан утарыта көрсөн тураллар. Ахтыспыт санааларыгар, тулалыыр эйгэлэрин умна түһэн ыллылар. Онтон " Ойоҕуум ойоҕум…оол кэллэ " диэн саҥаттан, саҥа уһуктубуттуу балаҕан диэки көрбүттэрэ Бэдирик аҕатыгар, сүтүгүн булбуттуу илиитинэн ыйар.
Арба эйигин кэргэн ыйыта кэлбиттэр - Бэргэн кыбыстыбыттыы, кыыһы кууһан турар илиитин ылла. Ньургуһун икки күтүөт кэлэн туралларын, саҥа өйдөөбүттүү умса көрдө. Кини Бэргэни баҕар үөдэн да түгэҕэр, бииргэ барсыахтыы таптаабыта . Сарсыарда кинини санаан уһуктар, киэһээ кинини санаан утуйар. Күнү быһа өрүскэ олорон ,төһөлөөх күүттэ этэй. Дьоно билигин Бэргэни, иккиһин үүрэр түгэннэригэр бииргэ барсар санаалаах. Бэргэни таптыыр оттон Бэдириги көннөрү аһынар эрэ.
Ити эһиги оччоҕуна кыыскытын кимиэхэ эргэ биэрэр буоллугут!? - Токоорой кыыстарын тахсан, көрөн турар төрөппүттэриттэн - киҥинэйэн
эрэрдии ыйытар.
Түүрэй ойуун ыар нүһэр, кимтэн да толлубат бэйэтэ бу сырыыга мах бэрдэрдэ. Балаҕаҥҥа киирбитигэр, Токоорой уолунаан батыһан киирдилэр.
Күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыһым, ити Бэргэн уолу ордорор эбит. Оҕобун ытаппытынан - соҥоппутунан, эһиги уолгутугар кыайан биэрбэт буоллум. Онон алы гынаргытыгар көрдөһөбүн - Ойуун кэһиэҕирбит куолаһынан эттэ.
Оччотугар саат куттарыытын төлүүр буоллаххыт!! - Токоорой көбүөлээн эрэрдии саҥарар.
Ол онтуҥ төһө буолуой?
Кинээс быһаарыаҕа ! - диэтэ Токоорой - чэ барыах нохоо! Дьиэлиэх!
Оттон ойохпун!?
Бардыбыт диэтим кэрэдэк! - уолун күргүйдээн илдьэ таҕыста.
Аҕаа оттон иньээм " ойоҕо суох кэлээйэҕин!” диэбитэ дии - Бэдирик аҕатын батыһан иһэн ыйытар.
Ойохтонон таймаланан бүттүбүт! Аккын ыҥыырдаа! Сириллэн баран туруоҥ дуо?! - Токоорой бииринэн дьоҥҥо суоһурҕанан ,үөгүлээбитэ өй дуораана буолан, тыаҕа эҥсиллэн устунан Элиэнэ эбэнэн тарҕанан симэлийдэ.
Аҕаа “саат куттарыыта” диэн ити туоҕу этэн барда? - бүтэһик кэпсэтиини ,киирэн иһэн истибит буоланнар Ньургуһун ыйытта.
Саат куттарыыта диэн оттон ,дьиҥэр былыргы умнуллан эрэр үгэс этэ. Кимиэхэ эмит туоҕу эрэ биэриэх буолан эрэннэрэн баран ,тылгар турбатаххына, кыбыстыыга киллэрдэххинэ төлөтөллөр.
Оттон туоҕун саатай. Ким да көрбөтөх ,истибэтэх буоллаҕына. Биһиги кимиэхэ да кэпсээбэппит.
Буолбутун иһин сириллэн баран төттөрү барар , тустаахха туох үчүгэйэ кэлиэй. Эбиитин кинээһинэн куттаан барда. Онтон син биир сурах тарҕанар.
Ол “саат куттарыыта” диэҥҥэ төһөнү төлөтүөхтэрэй? Мин төлүөм буоллаҕа дии - Бэргэн кэпсэтиигэ кыттыһар.
Токоорой оҕонньор уола Бэдирик, Түүрэй ойуун кыыһын ойох ылыахтааҕын, икки өттүттэн остуос быспыттарын үрдүнэн ,“кыыһын атын киһиэхэ биэрдэ “диэн ойууну кинээскэ үҥсэн, саат куттарыытын төлөттүлэр. Кинээс чаччыынаны кытта ойуун ыанар тарбыйахтаах ынаҕын кытта, көлүнэр кунан оҕуһун уоппустаан тутан ылаары гыммыттарын, күтүөттэрэ Бэргэн хачыгырас харчынан төлөһөөрү, таһааран ааҕан хачыгыратта. Кинээс ону көрөн саҥатыттан матта. Кини балаҕаҥҥа киирэригэр солотунан туһанан, бардамныах курдук туттан иһэн ,мааны таҥастаах күтүөт өтөрү - батары көрбүтүгэр уостан хаалбыта. Онтон билигин саат куттарыытын төлөтөллөрүгэр ,күтүөттэрэ биир ,икки эрэ ынах буолбакка бүтүн үөр сылгыны атыылаһыахха сөптөөх харчыны таһааран баран ,сороҕун ааҕан биэрдэ. Онтуота түөрт төбө сыаната буолла. Кинээс сыаҕа иҥсэрэн салбанар ыт курдук буолла. " Бэйи тустаахха тиксэриллиэ ,бэйэтэ кэлсибэтэ " диэн баран укта охсон кэбистэ. " Ити аһара элбэх буолбатах дуо?”- диэн чаччыына этэн көрбүтүн, кинээс кырыктаахтык кынчарыйан саҥата суох ыытта.
Кинээс Токооройдооххо кэлэн, харчыларын сороҕун эрэ биэрдэ.
" Сирэн сирэн сиргидэххэ түбэһиэхтэрэ!” - Бэдирик ийэтэ кинээс биэрбит харчытын аахпакка эрэ, халадаайын ис өттүгэр, бэйэтэ тикпит сиэбигэр уктан кэбистэ. " Өссө мин оҕобун сирбит буола, буолалар!" - диэн эбэн ботугураата. Кинээс ону эрэ күүппүттүү сыалбас гынан хаалла.
Кэнники Бэдирик " Иньээ оттон атын ойох суох дуо? Ол кинилэр кыыстара эрэ баар үһү дуо? “- диэбитигэр биир бүрэ да буоллар, сэниэ ыал кыыстарын ойох ыйыппыттара. Бэдирик сүүрүк аты атыылаһаары гыммыт киһилии, кыыс тула хаамыталаан баран ,мичик гыммыта. Кыыһа эмиэ күлэн сыһыгыраан иһэн айаҕын сабы туттубута. Ыал буолалларыгар тыла суох кэпсэтии, сөбүлэҥнэрэ итинник этэ. Таптала ,таймата суох оннук холбообуттара. Бэдирик ойоҕунаан хаппахчыга хоммуттарын кэнниттэн, ийэтэ Бэдириктэн ыйытта.
Хайа нохоо ,ойоҕуҥ хайдах эбитий? - диэн " эрдэ эр киһилиин утуйбут эбит дуо?”- диэн курдук ыйыппытын уола ,онно эрэ кыһамматтыы холкутук хоруйдуур.
Үчүгэй иньээ үчүгэй - эрэ диэн туох эрэ минньигэһи сиэбит киһилии туттан этэр. Үөрэн ыттайар. Бэдирик хата барытын " үчүгэй " диэн иһэринэн маладьыас. Кыыс эргэ тахсарыгар " кыабакатын симэҕэ тыаһыахтаах" ол эбэтэр эр киһи туһана илик " бүтэй" буолуохтаах. Ол умнуллан эрэр үгэс. Эбэтэр Бэдирик курдуктар ону эрэ баардылаабат, онно эрэ кыһаммат дьон умуннарбыттара буолуо. Кыыс эрдэ " кыабакатын симэҕэ тыаһаабыт" буоллаҕына эмиэ " саат куттараллар".Уоллаах кыыс оҕону, сорохтор кыра саастарыгар кэпсэтэн " остуос быһаллар" ол кэннэ бу кыыс оҕо ,холбоһуор диэри кылаана да кыларыйыа суохтаах диэн. Дьэ оннук. Ону биһиги кэпсээммит дьоруойа Бэдирик обургу “эрдэ тыаһаабыт эрэ, суох эрэ” биир тылынан " үчүгэй иньээ үчүгэй" диэн быһааран кэбистэҕэ ити.
Бэргэн Ньургуһунун Аанньаах куоратыгар көһөрөн аҕалбыта. Тыа кыыһа улахан өстүөкүлэ түннүктэрдээх ,ат эккирэтиэххэ сөптөөх дьиэни саҥа көрөн сөхпүтэ, астыммыта.
Ол кэмҥэ Герасим били үнүргү амырыын атаһынаан, Бэргэни көрдүү сылдьаллара.
Бэргэни Аанньаахха барыан иннинэ, Түүрэй ойуун сэрэппитэ. “Маннык күҥҥэ, бачча кэмҥэ сэрэх буолаар, икки хара күлүк кэлиэҕэ. Утуйан сэрэххин сүтэрэр түгэҥҥэр ,дьиэҥ умайыан ол эбэтэр, туох эрэ бөрүкүтэ суох быһылаан буолуон син” диэн сэрэппитэ.
Бэргэн ону аахайбакка умна сыспыта, хата Ньургуһун уһугуннарбыта. Аҕата этэрэ туолан иһэрин биллэр буоллаҕа, ол иһин ытырыктата санаабыта. Түүн тиэргэннэригэр атах тыаһа тибигирээбитэ. Уол таҥнан таһырдьа тахсыбыта. Ыйдаҥалаах буолан, икки күлүк диэни эргийэн, барыҥнаһан үөмэн иһэллэрин көрбүтэ. Ойуун сэрэппит буолан Бэргэн быһаҕын ,саатын бэлэмнээбитэ да дьиэ иһигэр хаалларбыт. Ол оннугар ааны туора олуйан, хатыыр маһын тута сылдьар. Күлүктэр эргийэн аан аттыгар кэлиилэригэр уол дьиэ муннугар, күүлэтин эркинигэр ыга сыстан турда. Биир күлүк бу барыйан кэллэ, умса нөрүйэн ааһар кэмигэр маһынан төбөҕө сырбатан иһэн ,илиитэ барбата. Ол иһин үөмэн иһэр киһини саҕатыттан тардан баран ,сүнньүгэ биэрэн баран ,быарга тэптэ. Ол төкүнүтэр кэмигэр иккис киһи куоппутун эккирэттэ, олбуор нөҥүө ойон эрдэҕинэ аан хатыыр маһынан, сиирэ халты охсуолаан куоттарда. Онтон бастаан чокуйбут киһитигэр кэлбитэ, суола сойбут. Арай саҕатын көтүрү тардыбыта хаалбыт. Ону Бэргэн ылан дьиэҕэ илдьэ киирдэ.
Аҕаҥ сэрэппэтэҕэ буоллар дьэ кырдьык ити дьон туоҕу гыналлара биллибэт - диэн Бэргэн Ньургуһуҥҥа этэр.
Куорат сир дьалхааннаах дииллэрэ кырдьык эбит. Оттон Бэргэн эрэй элбии илигинэ, тыа сиргэ көстөхпүтүнэ хайдах буолуой? - Ньургуһун куттанан төгүрүччү көрөр.
Ити били миигин эккирэтээччи дьон буолуо - Бэргэн кэргэнин этиитигэр, бу диэн хоруйдаабата.
Герасим куомуннааҕа Онуфрийы кытта, хараҥа дьыалалара сатамматаҕа. Ол да буоллар Бэргэнтэн хайдах эмит гынан ,көмүһүн былдьыыр санаалаахтар.
Дьэ табыллыбатыбыт.
Суутунан киириэххэ!
Дьоммутун өлөртөөн баран көмүспүтүн былдьаабыта диэтэххэ , суут биһиги диэки буолуон син. Кини соҕотох, кэрэһит суох. Биһиги иккиэбит. Уонна кини кыайан нууччалыы да саҥарыа суоҕа. Оччотугар суут биһиги диэки буолуоҕа! - диэн саха уолун Бэргэни сэнээн суутунан киириэхтэрин баҕараллар. Нууччалыы кэпсэтэллэр.
Элиэнэ эбэ киэҥ ньуура чуумпуран, сиэркилэ курдук буолан ,күн уотугар мэндээрэр. Кытылга олорбут хоптолор эргийэ көтөн тахсан ,тэлээрбиттэрэ күн уотугар кыһайа көрдөххө ,ирбинньиктэнэ оонньууллар.
" Первенец" диэн борокот аал көлө, икки өттүнэн ,салбахтарынан ууну өрүтэ ыспахтыыр. Уһун турбатынан хара буруо уһуурар. Күллүр - баллыр гыннаран, көлүөһэлэринэн эрдинэн сүүрүк өрө дьүккүйэр.
Бэргэни бүгүн суукка ыҥырдылар. Тиийбитэ Герасим кытта, били куомуннааҕа бааллар. Герасим былааннаабытын курдук буолбатах эбит. Бэргэн таҥаһа саба мааныта сүрдээх. Нууччалыы санаатын этэр киһи буолан биэрдэ. Нууччалар хата бэйэлэрин таҥастара мөлтөх буолан , кыбыста быһыытыйдылар. Герасим били Бэргэн дьиэтигэр үөмэн киирэн истэҕинэ, хомуһуолун саҕатын туура тардыбыта. Онтун иһинэн кэппитэ, саҕатын сабыламмыта син биир көстө сылдьар.
Сандаарым судьуйаҕа Герасимнаах эрдэ кэпсээбиттэр быһыылаах. Ону уолтан доппуруостаабытыгар туох баарынан кэпсээтэ. Хата бэйэлэрэ сабы түһэн доҕотторун өлөртөөбүттэрин, уонна манна эккирэтэн кэлэн дьиэтин уоттуу сатаабыттарын, биирдэстэрин саҕатын туура тардан ылбытын көрдөрдө. Ону Герасим биллэн турар мэлдьэстэ. Онуоха Бэргэн судьуйаҕа этэн , Герасим тас сонун устарга күһэйдилэр. Устубутун кэннэ Бэргэн, таҥаһын тэҥнээн көрбүтэ сөп түбэстэ. Инньэ гынан Герасимнаах уолу үҥсэн көмүһү ылаары гыммыттара, сатаммата. Оччотооҕу суут биллэн турар, харчылаах өттүгэр охтор буоллаҕа. Бэргэн онно төлөөбүтүн да иһин, кистэммит көмүһэ баһаам. Герасимнаах сууту кыайан атыыласпакка , сэнээбиттэриттэн сэттэрин ылан, хараҥа хаайыыга ,түүнүктээх түрүмэҕэ ыт баһын саҕа, ыадар күлүүһүнэн хатаннылар.
Бэргэн төһө да байбытын иһин, дьоно көмүс ыарахан тыыннааҕын иһин, дьоно сэрэхэдийэн сүбэлииллэрэ. Ол иһин Бэргэн нэһилиэгэр бэйэтин үбүнэн , таҥара дьиэтин уонна оскуола туттарбыта. Дьадаҥы ыалга төрөөбүт буолан, тиийиммэт - түгэммэт ыалга көмөлөһөрө.
Аҕыйах сылынан Бэргэннээх Ньургуһуҥҥа, көмүстээҕэр күндү чыычаахтара төрөөбүттэрэ. Туохтааҕар, көмүстээҕэр даҕаны күндү ,оҕо диэн буоларын билбиттэрэ. Дьоллоох соргулаах ыал буолбуттара. Ньургуһун аҕыйах эрэ сыллаахха өрүскэ Бэргэнин кэтэһэн эрэйи көрөрө ,билигин эмиэ икки оҕо сиэтиилээх өрүскэ киирдэ. Бэргэн курдук дьүһүннээх уолчаан, хаптаххай чараас тааһы ылан, өрүскэ быраҕан халыта оонньуур. Ону көрөн Ньургуһун курдук сирэйдээх, кырачаан балтыта, үөрэн ытыһын охсунар, өрүтэ тэйиэккэлиир. " Биий, икки ,үч!" диэн аахпыта буолар. Ньургуһун Бэргэнниин саҥа билсэллэригэр, эмиэ итинник, уол тааһы быраҕан, хаста өрүс ньуурунан тэйиппитин ааҕара. Билигин оҕолоро көмүс чыычаахтара чубугураһан , күлэ - үөрэ оонньууллар. Ама мантан ордук дьол баар үһүө. Ньургуһун кыысчаанын көтөҕөн ылан, сэрэнэн үөһээ эргиттэ. Кыысчаан былааччыйата эргийэр, күлэн чачыгырыыр.
Ону арай аҕалара Бэргэн кэлэн, көрөн үөрэн турар эбит.
Бүттэ.
Ородьумаан
11.12.2022.