Кэпсээ
Войти Регистрация

Хачыгаардар - Арсен Михайлов

Главная / Кэпсээннэр / Хачыгаардар - Арсен Михайлов

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 179
30.12.2022 21:05
3k 0

Альтернативное описание изображения темы    1993 сыл алтынньы эргэтэ СПТУ хочуолунайыгар икки үлэ миэстэтэ тахсыбыт диэни истэн,аҕам директор Алексей Афанасьевичка (Хара Өлөксөйгө) субуоннаан,миигин үлэҕэ кэпсэттэ.Сойуус эстэн,сир-дойду аайы сопхуостар,тэрилтэлэр ыһыллан-эстэн,үлэ мээнэ суох.Баар да буоллаҕына аны хамнас хойутуур,сорох тэрилтэлэргэ ыраас харчыны көрбөттөр,натурпродукт, бартер диэннэр кэмнэрэ.

    Сарсыарда хонтуораҕа таҕыстым,сопхуос Балантыын Дьөгүөрэбис ( Аут) кэтэһэн олорор эбит.Эрдэ,биир үлэһитэ тиийбэт аны икки үлэһитэ “аһаан” уурайбыттар, барыта үс хачыгаара суох эбит. Тугу үлэлээбиппин,арыгыны төһө иһэрбин ыйыталаста.Киин сирдэргэ дьэллигирдэрбин да,син үөрэммиппин,үлэлээбиппин.Үлэм киниискэтиттэн көрөн,арыгыга умньамматахпын истэн:" Декүмүөҥҥүн сэкиритээргэ туттаран,хочуолунайга түргэнник тиий"- диэтэ.Дьиэбэр төннөн,таҥас уларыттан үлэбэр тэбинним.

    Сабыс-саҥа сыһыары тутуу бытовкаҕа киирбитим,Наум Аккаай Баабылап Арыйаанныын олороллор.Аккаайдыын бииргэ үлэлиир буоллум.Арыйаан - сантехник,хачыгаар тиийбэт буолан солбуйа сылдьар.

    Дэриэбинэҕэ улаханныын-кыралыын ,уон иһэ-таһа хочуолунай баар,инньэ гынан “хачыгаар аймах” элбэх,манна көр - хачыгаар,онно көр-хачыгаар.
“Центральнай”,“Верховнай”, СПТУ күнүстэри-түүннэри сабыллыбат,сырыылаах сирдэр.

    Дьон мустан,күннээҕи сонуну-нуомаһы кэпсэтэр,хаарты,дуобат оонньуур сирдэрэ,ол быыһыгар “аһааһын” да элбэх.“Точкалар” үөдүйбүт кэмнэрэ буолан,ол “ас” түүн да,күнүс да дэлэй,биирдэ эмит симиэнэҕэ “хоноһото” суох буолаллар.Ол иһин хачыгаарлар уу сүүрүгүн курдук уларыйа тураллар,сорох кэмҥэ үлэһит илии тиийбэт түгэннэрэ буолан ылар.Дэриэбинэҕэ хачыгаарынан үлэлээн ааспатах киһи ахсааннаах буолуо,ол саҕана.

    Уолаттарым мүчүҥнэһэ-мүчүҥнэһэ “вступительнай взнос” диэн баар,ол кэннэ бастакы хамнас уонна уоппускаҕа барааһын,ис-иһимэ, туруордаххына сатанар.Ити үһү тутустаххына эрэ уһаан үлэлиигин,“круговой порукаҕа” киирэҕин,сотору “убайдар” киириэхтэрэ - дэһистилэр.Ити этиллибит “вступительнай взностара” мин үлэлээн бүтүөхпэр дылы баара,кэлин халбаҥнаабакка тутуһааччылара биирдэстэрэ этим.

    Оччоттон баччаҕа дылы тыа лааппылара аһы-табаары иэс биэрэн абырыыллар,хамнаска дылы иэс суруйтаран ылан кэллим.Киирээппин кытта Аккаай биир бытыыкканы быраҕыллан турар бытовкаҕа таһааран кистээтэ,түүн наада буолуо диэн.Соторунан дьон мустан барда,киирбит киһи бары үлэҕэ киирбиппинэн илии тутуһан эҕэрдэлээн иһэр.Саҕаланна да көстөн иһэр “аһааһын” уһаата-кэҥээтэ,киэһэ хойукка дылы барда.Хата,халлаан сылаас буолан,күүскэ оттубаппыт.Оһохторбут “Универсаллар”, ол эрээри саҥа оҥоһуу ,“кипящий слой” диэн ааттанар,иһигэр уу сылдьар,турбанан оҥоһуллубут агдалаах,алларааттан “поддув” диэн күөдьүтэн биэрэ турар тэриллээх.Хочуолунайбыт эркинэ улахан баҕайы түннүк диэххэ дуу,аан диэххэ дуу,ол онон массыына кэлэн сүөкээтэҕинэ чохпут иһирдьэ киирэн хаалар.Инньэ гынан чох сиидэлиир да,кыстыыр да наадата суох,биир кэм быраҕыы.Этэргэ дылы - Бери больше,кидай дальше,пока летит- отдыхай,дэриэбинэҕэ бастакынан оҥоһуллан тураллар,атыттар “самотектар”.Чохторун сиидэлэнэн,тачканан тастан оттоллор.Биһиэнэ кыратык чох бырахтыҥ да,сылыйа түһэр,сол курдук түргэнник сойор.Киһим элбэҕи бырахтарбат,оһох сойуо үһү.Үс оһохтон иккитин оттобут,биирэ халлаан тымныйдаҕына оттуллуохтаах.Симиэнэ симиэнэттэн уратылаах буолар,сорох сойуппакка оттор,сорох киэнэ сойон хаалар.Оһоҕу табан оттуу эмиэ сатабылы эрэйэр,ити өр соҕус үлэлээтэххэ кэлэр,биһиэхэ ол суох.

    Хойутуу,киэһээҥҥибитин дьиэбитигэр чээйдээн кэлбиппит кэннэ ,үс-түөрт Аккаай уолаттара кэллилэр.Били кистэммит “ас” таҕыста,уолаттар бэйэлэрэ эмиэ “ыһыктаахтар” .Түүнү супту хаарты оонньоон,быыһыгар оһохпутун оттон ,сарсыарданан тарҕастылар.Сарсыарда сопхуоспут Балантыын киирэн- Хайа, уолаттар,хайдах хоннугут?Уугут,чоххут хайдаҕый?- диэн ыйыталаһан хонтуоратыгар ааста.Эдэрбит бэрт буолан уйарбыт бэрдэ дуу,аҕыйаҕы испиппит эбитэ дуу,арыгы испит сыппытын да ылбата.

    Сотору Баабылап Ньукулай (Хорош ) ,Һаабынап Туола (Суорҕан) үлэлии кэллилэр,ону-маны кыратык кэпсэтэ түһэн,үлэбитин туттаран,дьиэлээтибит,бастакы симиэнэ бүттэ.

    Аныгыскы үлэбэр кэлиибэр,Түрүлүөпкэ Бааска Болоттуун баанньык хочуолунайыттан көһөн кэлбиттэр онон дьэ,толору састаабынан үлэлээн бардыбыт.Сантехникпыт Баабылап Арыйаан,чохпутун Ильин Миисэ,уубутун Алешин Гоша таһаллар.

    Өрөбүл да күҥҥэр,быыс буллаххына хочуолунайга сылдьа тураҕын,бэйэлэрэ да кэпсээннээх- ипсээннээх дьоҥҥо киһи таттаран сылдьар.Болот кэпсиир - Биир сүөһүм борооскутуттан ууланан үстэ төрөөтө.Бөттөкүөп киэнэ,кини саастыыта дьэ,быйыл төрөөтө.
Онуоха Бааската :

  • Дьэ,ол байар киһи бэлиэтэ,дьон киэнэ биирдэ төрүөр дылы эйиэнэ үстэ төрүүр.
    Аны ссуда ылан “Урал” матассыыкыл ылыммыт,онтун кэмигэр кыайан төлөөбөккө,эбии сүөһү туттан төлөөбүт.
  • Болот диэн кыах киһи, дыбайыам да төлөөн ылар буоллаҕа - диир Бааската.
    Салгыы:- Мантыҥ сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы тохтообокко от охсор,чуут омурҕаннаан эрэ ылар,дьэ,уҥмат тыыннаах охсооччу -диир.
  • Түрүлүөпкэни көрөбүн,табаахтыы олорор буолар,иккис көрүүбэр отуутугар тахсан чэй иһэ олорор онтон көрүүбэр төрүт даҕаны илим көрө сылдьар буолар.Киэһэ бүтэн,дьиэлээн иһэн көрбүтүм,син-биир мин саҕаны охсон тэлэкэлээн сытар - сөҕөн саҥарар Болот
  • Хотууру үчүгэйдик оҥостуохха наада - күлэн кэбиһэр Бааската.
  • Ыалым Болуодьа соҕурууттан “сурунан” ылбыт (“Клуб знакомств”) ойоҕо оҕуруоччут бэрдэ,сайые арааһы бары үүннэрэр.
  • Дьэ,буолуо,ол соҕуруу сир дьахтара
  • Болуодьа: Хабачыкы баар буоллаҕына эт наадата суох - диир
  • Тоҕо бэрдэй,ол эт курдук амтаннаах ас буолуо?
  • Оттон оннук буолуо,доҕоор,амсайан көрбүт суох.
Ити курдук күн устата арааһы бары сумустуулаһаллар.

    Ньукулайдаах Туола үлэлэрин күнүгэр кэпсэтии эмиэ дэлэй.Туола бэрт үгүһү аахпыт,истибит,көрбүт киһи,үлэтигэр кинигэ,сурунаал кыбыныылаах кэлэр-барар.Библиотекарь Балантыыҥҥа мэлдьи сылдьар,тугу эмэ булгу уларсан ааҕар,Баабылап даҕаны элбэҕи билбит-көрбүт,эмиэ дьээбэ-хообо тыллаах кырдьаҕас.Бааскалаах Болот дьиэ таһынааҕыны ирэ-хоро кэпсэтэр буоллахтарына,бу дьонуҥ дьиэ таһыттан саҕалаан,Арассыыйа эбэ хотуну уҥуордаан,аан дойдуну эҥсэн кэпсэтэллэр.Билбэт,быһаарсыбат тиэмэлэрэ диэн суоҕун кэриэтэ.Дьон сэҥээрэн истэр,тэҥҥэ сэлэһэн,куолу-хаалы бөҕө буолаллар.

    Ньукулай сүрдээх чэйимсэх,ол иһин кини чаанньыга өрүү оргуйан,бэлэм турар.Наар итии чэйдээх,онто омуннаатахха,куруускаҕа чаайынай луоска хороччу турар саахардаах.Сылдьыбыт киһи чэй иһиспэккэ эрэ тахсыбатын кэриэтэ.Кини үлэлиир күнүгэр хас чаанньык иһиллэрэ эбитэ буолла,мэктиэтигэр,чэйинэн уонна табааҕынан эрэ сылдьар курдук.Биир идэтэ - дуобат оонньуута.Ордук уутуйан оонньооччулар : Бүөдэрэп Уйбаан,Арамааскы Ньукулай,Лээхэп Һаачыкка, атыттар кыра оонньооччуларбыт.Олох “бум” буола сылдьыбыттаах,Баабылап үлэлиирин саҕана.

    Ааһа баран хонтуораҕа күрэхтэһии тэрийэллэрэ, СПТУ эр дьоно бары да кэриэтэ кыттара.Хонтуора “мургуттара” Тэриэнтэйэбис,Билиикэбис, Бөтүрүөбүс,Дьууруй Уйбаанабыс.Техүлэһиттэр,ордук Арамааскыга,Уйбааҥҥа,Баабылаппытыгар эрэнэбит,дьоммут сороҕор кыайан,сороҕор кыайтаран,эриэ-дэхси киирсэллэр. Сорох күн хочуолунайга,арыт күн хонтуораҕа көһө сылдьан оонньууллара.

    Ити курдук бастакы кыһыммын хачыгаардаан аастым.

19.01.22 сыл
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба

Добавить комментарий