Кэпсээ
Войти Регистрация

WhatsApp кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээннэр / WhatsApp кэпсээннэрэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:07
3k 45

Содержание

Альтернативное описание изображения темы

САХАМ СИРЭ БАРАХСАН…

ЫҺЫАХ 1944 с. диэри бобуулааҕа.

Онтон сэрии үс сылын тухары дьон кураантан ас тиийбэтиттэн, байыаннай нолуоктан, сокуон кытаатан, хоргуйан өлүү элбэҕиттэн Кута-Сурэ наһаа тостубут, Олоххо күүһэ эстибитин көрөн, обкомҥа кыстык түмүгүн, сааскы ыһыы эҥин түмүгүн, миэстэттэн субуоккалары көрөр буоллахтара. Хайдах дьоммут Духуобунай күүстэрин өрө көтөҕөбут диэн. Онно А.И. Захаров диэн киһи Ыһыаҕы тилиннэриэҕин диэн этии киллэрбитин ылыммыттар. Кини Күннүк Уурастыырабы кэпсэтэн , “Кыымҥа” Ыһыах Саха норуотугар суолтатын туһунан хас да нүөмэргэ ыстатыйа таһаартарар, обкуом көҥүл биэрэр. Улуустартан Ыһыаҕы тэрийэргэ, отчуоттуурга циркуляр ыытар. Дьону аһатарга көҥүл биэрэн байыаннай сокуону сымнаппыттар.
А.Захаров ахтыытыгар дойдутугар Хаҥаласка тиийбитэ. Дьон былыргы Ыһыах иһиттэрин-хомуостарын тэлгэппиттэрин, таҥастарын-саптарын кэппиттэрин көрөн сөхпүтүн суруйбут этэ. Уонтан тахса сыл Ыһыах ыытыллыбат буолтун да үрдүнэ барахсаттар сүтэрбэккэ уура сылдьыбыттар эбит.
Дьон сэргэ тото-хана аһаан, ыллаан-туойан куттара-сүрдэрэ тиллибитэ, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ үчүгэйэ бэрдэ диэн суруйбут этэ. ЫЬыахтар хайдах барбыттарын “Кыымҥа” бэчээттээбиттэр. Ол кэннэ эһиилигэр аатырбыт Кыайыы ыһыахтара ыытыллыбыттара.

ЫҺЫАХПЫТ итинник харах уута да, Үөрүү, Өрөгөй, Кут-Сур көтөҕүллүүтэ, өлүүнү кыайыы аргыстаах историялаах…

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:10

Хайаан да көрсүөхпүт

    Бахсыытап Бүөккэни биһиги оскуолабыт кыргыттара бары таптаан сордоноллоро. Ол Бүөккэлиин биһиги кыра эрдэхпититтэн бииргэ улааппыппыт. Этэргэ дылы, биир тиэстэттэн мэһиллибиппит. Куукулалаах да, сэриилэһэ да тэбис-тэҥҥэ оонньуурбут. Ити буолан, сыыҥын-сыраанын алтыс кылааска диэри соһон сордоммут, куруук аттыбар баар, сынтаҕар муруннаах ордуос майгылаах Бүөккэни мин эрэ көннөрү доҕор-атас быһыытынан ылынар быһыылааҕым. Алтыс кылаас кэнниттэн дьоно атын улууска көһөр буолбуттара: аҕатын атын үлэҕэ анаабыттар этэ. Сүөһүлэрин эбэлэрин аахха хааллартаан, биир үтүө күһүн сус гынан хаалбыттара. Бүөккэ барарыгар мас саатын, биир туһаҕы уонна күөх өҥнөөх эрэһиинэ мээчиги, миэхэ, ыкса доҕоругар, өлүүлээн хаалларбыта, харыстаан илдьэ сылдьарбар, оонньуурбар эппитэ. Уонна: «Туйаарыс, эн биһикки улаатан баран хайаан да көрсүөхпүт дии»,— диэбитэ. 
    Мин, саа бэлэхтэтэн, эбиитин ымсыырар күөх мээчикпэр тиксэн, доҕорум барбытын баардылаабатаҕым, хата, улаханнык байбыт-тайбыт саҕа санаммытым.
    Тоҕотун билигин да билбэппин эрээри, Бүөккэни ол кэнниттэн наһаа өр көрбөтөҕүм. Оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн Дьокуускайга пединститут устудьуона буоллум. 
    Оччолорго олоҕум олус интэриэһинэй этэ. Саҥаттан саҥа күн элбэҕи эрэннэрэрэ, эдэрим да бэрдэ, эмиэ дойдубар тахсаары, саҥа таҥас кэтээри сайын ыһыаҕы күүтэрим. Билигин эмиэ бэс ыйа, ыһыах үгэнэ…
    Бастакы кууруһу этэҥҥэ түмүктээн, дьоммун, дьүөгэлэрбин олус ахтан-суохтаан дэриэбинэм ыһыаҕын баттаһа сайылыы кэллим. Ахтыспычча, барыларын кытта биир күн иһигэр төлөпүөннэһэ, билсэ оҕустум. Бииргэ үөрэммит кыыһым Октюшка дэриэбинэ кэккэ сонунун уонна да араас «бэстилиэнэй» бириэмэҕэ буолбут хобу-сиби төрдүттэн баһыгар диэри сиһилии кэпсээтэ; ити быыһыгар Бахсыытап Бүөккэ диэн кылааһынньыкпыт соторутааҕыта аҕай куораттан кэлбитин, «Волга» массыыналаммытын, улаатан, өссө тупсубутун туһунан эттэ. Мин ол хас биирдии кэпсээн аайы: «Айуу чэ, бүттэхпит дии» диэн үгэргии-үгэргии, күлэн саһыгырыы олордум. 
    Аны ол Бүөккэбит нэһилиэстибэ гынан бэлэхтээн хаалларбыт саатын-мээчигин ирдэһэ кэлэрэ буолуо диэн, мүчүк гына-гына, дьээбэҕэ, аҕабыттан ыйытабын. Сааны дьонум былыр үйэҕэ саһаҕа оҥостон умаппыттар; туһах ампаар үрдүгэр баар буолуон сөп курдук, оттон мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытарын бэстилиэнэйин былырыын көрбүттэр. 
    Ыһыах күн маҥан сарапаан кэтэн, ытыахпар диэри ыга киэргэнэн, түһүлгэҕэ киирдибит. “Кыракый оҕолор улааппыттар аҕай” дии-дии ураһа таһыгар кэнсиэр көрө олордохпутуна, биир уол гитаралаах тахсан ырыа ыллаата. Кыргыттар саҥалара, ыһыылара-хаһыылара өрө кыынньа түстэ, онтон-мантан «О, Петя, наһаа астыктык ыллыы-ыыр…» эҥин диэн курдук этиилэр иһилиннилэр. Оттон мин бу сынтайбыт Бахсыытап турар үһү дуо, ама, диэн атыҥырыы санаатым. Уп-уһун уҥуохтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх, уһун чуолкатын «сексуальнай баҕайытык» туора тараан кэбиспит, олус истиҥ куоластаах уолу ис-испиттэн долгуйа, көрө олордум. 
    Киэһэ дэриэбинэттэн тэйиччи баҕайы сиргэ ат сүүрдүүтэ буолар үһү диэтилэр. Октюшкалаах Бүөккэ массыынатынан бараллар үһү, миэстэ хайыы-үйэҕэ туолбут. Октюшкам миигин баар диэн кыбыппатах, эх… дьүөгэм буолуохсут! Мин испэр массыынаҕа баппаппыттан уонна миигин хаалларан баралларыттан улаханнык өһүрэ, «өссө киһи табаарыһын Бүөккэни табаарыс оҥосто охсубут буола-буолалар» диэн күнүүлүү санаатым. Инньэ гынан, сатыы да буоллар, бэйэм курдуктары кытта булсан, дэриэбинэттэн тахсар быыллаах суол устун хааман истибит. Кыһыйыам иһин, били, Бүөккэ массыыната ситэн ааста, эбиитин түннүктэн үөрэн дьабаспыт сирэй бөҕөтө көстөр, биллэн турар, киһиргээбиттэр аҕай. Ат сүүрдүүтүттэн, саатар, биир да матассыыкылга баппакка, санаам бүтэһиктээхтик алдьанан, саамай хойут, дэлби сылайан дьиэбэр кэллим. «Үҥкүүлүү барбаппын-хайаабаппын!» диэн Октюшкабар этэн, утуйаары сууна-тараана сырыттахпына, таһырдьаттан ийэм киирэн: «Эйиэхэ ыалдьыт кэллэ, күүлэҕэ таҕыс», — диэтэ. Хайалара бэһирбит буоллаҕай, син биир ханна да барбат инибин диэн саныы-саныы дьиэҕэ кэтэр, арыы таммалаабыт кыһыл футболкабын, тобуктаммыт, эбиитин онтуката икки сиринэн хайаҕастаммыт күөх ыстааммын кэтэн ыалдьыппар тахсыбытым, били, мааҕын ыһыахха ыллаабыт мааны уолум барыта кулгаах-харах буолан хоройон олорор эбит. Чуут төттөрү ыстаныах киһини уолум: «Туйаарыс-муйаарыс, бэрэбиэт, тоҕо билбэтэҕэ буола сылдьаҕын дыа? Кэпсэтиэ диэн күүтэ сатаан кэбистим, улаатан улахамсыйбыккын быһыылаах, һэ-һэ», — диэн күлэн тохтотто.
    Ол күнтэн ыла мин саныыр-санаам барыта кини, Бахсыытап Бүөккэ эрэ буолбута. Кини миигин көннөрү оҕо сааһын дьүөгэтэ, дьээбэлээх уонна сэриилээх оонньууну сатыыр кыыс курдук сыаналыырыттан, истиҥник, ол эрээри чахчы доҕордуу эрэ сыһыаннаһар дии санаан хомойорум. 
    Бүөккэ сотору-сотору миэхэ ыалдьыттыы киирэр буолбута. Уруккубутун, оҕо сааспытын, биир саастыылаахтарбытын кэпсэтиһэрбит. Була сатыы-сатыы мин киниэхэ төлөпүөннүүрүм. Арааһа, кини эмиэ. Юрий Шатунов саҥа кассетатын истээри миигиттэн магнитофон уларсара, оттон мин киниттэн кассетатын ылар буолбутум. Күнү быһа от үлэтэ үтүрүйэн, киэһэ эрэ көрсөбүт. Биирдэ туран оҕолору мунньан моонньоҕоннуу бара сылдьыбыттаахпыт. Онно Бүөккэ тигээйи уйатын алдьатан, бары тигээйигэ тиктэрбиппит. 
    Сайын түргэн баҕайытык ааспыта. Атырдьах ыйын ортотугар Бүөккэ, эбэтин ааҕы кытта оттоспута буола сылдьан, аҕата ыалдьыбытыгар куораттаабыт аатырбыта. Бараары эрэ сылдьан төлөпүөнүнэн: «Эн уларыйбыккын аҕай, мин табаарыс оҥосторбун дуу, невеста оҥосторбун дуу быһаарыммакка сылдьабын ээ, Туйаарыс. Чэ, мин ыксаатым. Көрсүөхпүт, хайаан да…» — диэбитэ. Олус да дьоллоох этим. Бүөккэҕэ субу кэргэн тахсан эрэбин диэн үөрбүтүм баара. Дьылҕабыт оннуга эбитэ дуу, Бүөккэ мин дьиэбэр суох кэммэр иккитэ төлөпүөннүү сылдьыбыт сурахтааҕа. Күһүн куоракка киирэн баран, уопсайбар (эмиэ суох кэммэр) хаста да кэлэн барбытын истибитим. Саатар, төлөпүөн да, саппыыска да хаалларбат этэ. Саҥа дьылга, баҕар, Бүөккэ кэлиэ диэн, эмиэ дэриэбинэҕэ таҕыстым. Суоҕа. 
    Онтон Маай бырааһынньыгар болуоссакка кэнсиэр көрө сылдьан Бүөккэбин көрсө түспүтүм. Үөрүүбүттэн уонна долгуйан хааламмын, умса көрөн туран дорооболостубут. Кини эмиэ олус дьолломмут этэ уонна табаарыстарын кытта маевкалыы баран эрэрин, ыксыы сылдьарын туһунан эппитэ. Сарсыныгар болуоссакка күнүс 3 чааска көрсүөх буолбуппут. Дьоллоох сарсыным үүммүт сарсыардатыгар эдьиийим оҕо көрдөрө ыҥыран баран маҕаһыыҥҥа барбыта уонна дьүөгэлэрин барытын кэрийэн, бырааһынньыктаан киэһэ хойут кэлбитэ. Инньэ гынан эмиэ сүтэрсибиппит.
    Эһиилигэр, эмиэ сайын, Бүөккэ эбэтигэр ыһыахтыы кэлбитэ. Соҕотох буолбатах, саҥа кэргэнинээн. Бахсыытаптар уоллара омук тыла үөрэхтээх кийииттэммиттэрин туһунан дэриэбинэҕэ киэмсийэ кэпсииллэрэ. Ол аайы мин хоспох кэннигэр тахсан, мас дьааһык үрдүгэр олорон оту тырыта тыыта-тыыта ытыырым… 
Бүөккэ кэргэнэ үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэр сурахтааҕа. Оттон мин дьиэбэр тиийдэхпинэ даҕаны икки хонуктан өр олорбоппун уонна ол өрдөөҕү сайын кэнниттэн ыһыахтыы иликпин. 
    Октюшка эмиэ кэргэн тахсыбыта, дэриэбинэҕэ олоро хаалбыта. Мин тиийдэхпинэ, киниэхэ хайаан да ыалдьыттыыбын. Араас сонуну истэбин. Таарыйа Бүөккэ хайдах олорорун туһунан сири аннынан ыйыталаһабын. Кини кэлин олус ытыктанар киһи буола үүннэ, аҥаардастыы хайҕааччы да, кириитикэлээн эрэ тахсааччы да баарын истэбин. Бэйэм өйбүнэн-санаабынан, ис дууһабынан кини диэкибин, кини киэнэбин…


    Бүөккэҕэ тапталбынан син уһун кэмҥэ олордум. Баҕар, куһаҕан дьахтары таптаабакка ылбыт буоллаҕына, хайаан да арахсыаҕа диэн күүтэ саныыр этим. Акаары баара… Бокулуонньук бөҕө тапталын сиргэ-буорга халтай тэпсэрим, элэк оҥосторум. Онтум билигин талбыт курдук тойон, чыын-хаан бөҕө буолан олороллор. Кэлин сааспын баттаһа биир преподаватель киһиэхэ, син сөбүлээн, кэргэн тахсыбытым; үс кыыс оҕолоохпут, үһүөн оскуола оҕолоро. Куоракка дьиэлээхпит, даачалаахпыт. Туохпут барыта ситэн-хотон эмиэ да киһи ымсыырар ыала буоллубут. Кэргэммин кытта толору дьоллоохпун диэбэтэрбин да, син олоробут. Ол эрээри, ити сүүрбэттэн тахса сыллааҕы тапталбын бүгүн да кыыс оҕолуу күндүтүк уонна курустук саныыбын. 
    Арай мин Бүөккэҕэ симик тапталбын эппит, бэйэтин көрдөөн булбут буолуум? Куораттааҕы төлөпүөнүн туормастыы олорбокко, эбэтиттэн да ыйыталаһан ылбыт буолуум?.. Эдэр уонна кыбыстанньаҥ майгым мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, билигин хайдах олохтоох-дьаһахтаах дьахтар буолуом этэй диэн кистээн таайа саныыбын.
Күөх мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытар буолуохтаах. Мин хайаан да мээчикпин булуом. Тоҕо эрэ мээчикпин буллахпына, Бүөккэбин эмиэ булабын диэн бүтэйдии саныыбын. 
Быйыл дэриэбинэҕэ үбүлүөйдээх ыһыахха ыҥырылынныбыт. Хайаан да көрсөр буолуохтаахпыт. Бүөккэ кэргэнэ эмиэ баар буолуохтаах, оо, дьэ…


    Сааһырбыт дьон кыра оҕо курдук тапталлаах оонньуура баар суол. Бастакы тапталы хайдах да умнан суох гынан кэбиспэккин дииллэрин сорох ылыныа суоҕа. Ол эрээри диирбитигэр тиийэбит. Үс улахан, биир эһээкий оҕолоох, дьоллоох Бахсыытаптар дьиэ кэргэннэрэ үс сыл аннараа өттүгэр үөскээбитин хайдах да таайыа суох этигит. Бу ыал ийэтэ Туйаара соторутааҕыта Дьокуускайдааҕы төрүүр дьиэттэн таҕыста.

Светлана ТИМОФЕЕВА

Сэбиэскэй саҕана

80 сыллардаахха, тэлэбииһэртэн атын мал суох кэмигэр, дьон кулууп аанын саппат буолара. Ол курдук араас кэнсиэртэри, спекталльары кытта холонон оонньоон көрдөрөллөрө. Оннуа биир спектаклҕтан быһа тардан көрдөрөн артыыстарбыт отой ууларыгар-хаардарыгат киирэн оонньуу сырыттылар. Саала иһэ уу чуумпу. Гражданскай сэрии саҕанааҕы кэми көрдөрөллөр. Биир ыал аҕата Хонооһой ревком оруолун оонньуур, билиэн түбэһэр, үрүҥнэр ытаары ампаар таһыгар туруораллар Хонооһой “өлүөн” иннинэ уохтаах-күүстээх тыл этэр. Арай ол кэмҥэ сиргэ олорооччу оҕолорго уола Миисиккэ сарылыы- сарылыы сыанаҕа ойон тахсан, а аҕатын атаҕын кууһар сытан маннык саҥалаах буолат:" Аҕабын өлөрүмэҥ! Кини өллөҕүнэ хотоммутун ким көрүөй?!
Итинник дии дии ытаан ыгыстар, аҕата хайдах да буолуон билбэккэ туран этэр: " Тойуом, Миисиккээ, түс-түс… өлөн бүттэхпинэ баран хотоммун көрүөм. Эмиэ биир оннук бандьыыттаах спектаклга, биир күрүөйэх бандьыыт сүүрэн киирэн оһох ойоҕоһугар саһара көстөр. Ону ирдээн кыһыл байыас хаһытыыр:" Өстөөх ханна саһан сытаҕын? Син биир булуом! Таҕыс! Итинник диэн сарылыырын кытта саалаҕа биир эмээхсин өмүрэн ыһыллан турар:" Оһох кэннигэр, оһох кэннигэр!- диир уонна ыйан көрдөрөр. Биирдэ ньиэмэстэрдээх киинэ буола турар. Бөһүөлэк олохтоохторун ытаары бэлэм тураллар. Ол кэмҥэ электрик Сааска диэн киһи хойутаан киирэн, олорор сир көрдүүр. Онтон сыана кэнниттэн олоппос ыла баран иһэн, хараҥаҕа көрбөккө экран туора тимириттэн иҥнэн сууллан тыас уус бөҕө буолар. Ол кэмҥэ ньиэмэстэр ытыалыыллар, ону көрөн ыксаабыт Маайа эмээхсин хаһыыта иһиллэр:" Илиэһэйдэр электрикпитин эмиэ сиэтилэр!
Ол кэмҥэ дьон хас киинэни барытын сүрэхтэригэр ылынан көрөлөрө. Киинэ буола турар. Икки сөп соҕустук аһаабыт атастыылар көрө олороллор. Бу бириэмэҕэ киинэ героинята роддомҥа төрүү киирэр. Ону көрөн олорон Бүөккэ атаһыгар этэр:" Ээ, ити тётя өр төрүөҕэ, билбит баҕайым, хата били билибитин тэп гыннаран киириэххэ. Үчүгэй киинэлэргэ миэстэ былдьаһык буолара. Биир оннук киинэ буолаары турдаҕына нуучча уолаттара киирэн ханна миэстэ баарын көрөллөр. Ваня таһыгар биир миэстэ баарыгар биир уоллара кэлэн олоробун дуо диэн ыйытар. Ону биһи киһибит хардата маннык буолбут:
Занято здесь Коля живёт!
Урукку кэмнэр быыстарын арыйсан көрбүккүтүгэр махтанабын! Үүммүт күҥҥүт кэрэ эрэ буоллун.
Нөнүөһэ

Олох барахсан…

Эмискэ уһуктубутум балыыһаҕа сытар эбиппин. Иһим кутаа уотунан умайар. “Туох буоллахпыный?” диэн санаа өйбөр охсуллан ааста. Ону кытары мэйиим глобустуу эргийэн киирэн барда. Куолайым хатаччы кууран кыайан да саҥарбат буолбуппун. Түүнү быһа аһыы утаҕы кэтэрдибитим, тамаҕым куура хаппыт. “Уута” диэн бэрт кыратык иһиллэр-иһиллибэттик саҥа таһаардым даҕаны, аттыбар дьон баара көстүбэт. Бэрт ыарыылаахтык төбөбүн өндөтөн көрбүтүм, иһим барыта бэрэбээски буолбут. Атахпар тура сатаатым да, төбөм ыарыыта ынырык. Сэниэм даҕаны суох. Сотору кэминэн үрүҥ халааттаах сиэстэрэ дьахтар кэлэн инчэҕэй тэрээпкэнэн уоспун сотто. Илиим тымырыгар систиэмэ укуолун анньан баран ханна эрэ барда. Палатабар эмиэ соҕотох хааллым. Бу сытан ааспыт олохпун саныы биэрдим. Сыбаайбам күнүн. Наһаа дьоллоох этибит биһиги. Биһиги барахсаттар. Тапталбынаан Киралыын саамай дьоллоох этибит. Сыбаайбабыт күнүгэр чугас аймахтарбыт, доҕотторбут кэлэннэр бары алгыс маанытын эппиттэрэ, тус олохпутугар дьолу баҕарбыттара. Ол гынан Кирабынаан дьоллоох олоҕу олорботоҕум. Сотору кэминэн киһим наһаа кыыһырар, айманар буолбута. Күн тура-тура ол-бу араас сыыс тылынан киһини сирэй-харах анньар идэлэммитэ. Дьиэ диэхпин дьиэбит баара. Массыына диэхпин массыына эмиэ баара. Үрдүк хамнастаах үлэлээх этибит. Баҕарбыппыт барыта баара. Ол гынан, биһиги этиһэр этиһиибит кыһалҕата атын этэ. Ити барыта биһиэхэ Айыыһыт Хотун оҕо биэрбэтиттэн сылтаан этэ. Хас даҕаны балыыһаны кэрийбиппит. Көрбүөччүлэргэ сылдьыбыппыт. Ол тухары ким даҕаны көмөлөспөтөҕө. Кирам барахсан кыайан оҕоломмот этэ. Кини хаппырыыһын тулуйа сатаан бараммын аһыы утахха ылларбытым. Устунан арыгыга ылларбыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Күн тохтоло суох арыгы иһэр буолбутум. Үлэбэр сүтэрим элбээн киирэн барбыта. Ол иһин соторунан үлэбиттэн көтүппүттэрэ. Эҥин араас доҕор-атас бөҕө аттыбар элбии түспүттэрэ. Биир сарсыарда Кирам малын хомунаат ханна эрэ барбыта. Бу иһэрим тухары Кирабынаан биир-икки тылы кэпсэппэт этим. Кира даҕаны тугу да саҥарбата. Хоһугар киирэн аанын хатанан кэбиһэрэ. Кини хас итирдэҕим аайы саҥата-иҥэтэ суох ытыыра. Билигин сэрэйдэххэ, арааһа, бэйэтин буруйданара быһыылааҕа. Чыычааҕым сыыһа билигин ханна тиийбитэ эбитэ буолла? Мин билигин бу быһаҕынан анньыллан бараммын балыыһа иччитэ буолан сыттаҕым. Оо, олох ыарахаҥҥын даҕаны. Кими эрэ дьолунан толороҕун, кими эрэ хара сорунан сордуугун…

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:41

Эрэл санаа 1ч.

Күһүн. Ылааҥҥы күннэр үүнэннэр, оҕо-аймах таһырдьаттан киирбэт үлүгэрэ. Уолаттар үөрэх бүттэр эрэ, футболлаан, күнү-дьылы барыыллар. Төттөрү-таары сырсан, спортивнай бэргэһэлэрин кэтэхтэригэр тиийэ өрө анньан, тиритии-хорутуу бөҕө буолаллар. Коля футболлаан, уолаттарын кытта төһөлөөх оонньуон, сүүрүөн-көтөн баҕарара буолуой да, оонньуур кыаҕа суох. Атаҕа көнтөс. Саатар, кылгас эрэ эбитэ буоллар, син тобуга хамсыа этэ буоллаҕа. Онтон киниэнэ олох хамсаабат. Көбүс-көнө. Олох кыра эрдэҕинэ, үс саастааҕар, аһыыр төгүрүк остуол, тоҕо эбитэ буолла, түөрэ ыстанан, түҥнэстэн, сууллан түспүт. Төрөппүттэрэ олохтоох балыыһаҕа көрдөрбүттэрин «быраас» Сэмэн, иһэ-аһыы сылдьан, улаханнык аахайбатах. Улуус киинигэр ыыппыта буоллар, баҕар, атаҕа маннык көнтөс буолан, көнөччү туттан хаамыа суоҕа этэ. Киһи кыһыйыах, ол киһи күн бүгүнүгэр диэри биэссэрдии сылдьар. Өссө «быраас» диэн хос ааттаах. Коля ол киһини олох сөбүлээбэт, көрдөҕүнэ иһэ «буһар». Өссө сураҕын иһиттэххэ, аймах аатырар. Биирдэ эмэ кэллэҕинэ, сөбүлээбэтин биллэрэн тэйэр. Ол иһин кэлин сылдьыбат буолан абыраата.
Уол мээчиги эккирэтэн сүүрэн тиритэ-хорута сылдьар уолаттар аттыларынан ааһан истэҕинэ, табаарыһа Кирилл элэстэнэн ситэн кэллэ. -Коля, бүгүн субуота буоларын умнубатыҥ ини. Киэһээ Лиза төрөөбүт күнүгэр барыахтаахпыт,- табаарыһа киэҥ хара кылдьыылаах хараҕа эбии кэҥээбиккэ дылы буолбут. Кирилл Лизаны өссө алын кылаастан саҕалаан сөбүлүүрүн киһи барыта билэр. Табаарыстара кыра кылаастан саҕалаан араастаан усулуобуйа тэрийэн аҕай биэрэллэрэ, киинэҕэ кэккэлэһиннэрэ олордо сатыыллар, эмиэ да биэчэргэ үҥкүүлэтэ, кылааска иккиэннэрин эрэ хааллартыы сатыыр түгэннэрэ элбэх. Онтон Лизалара иннэ-кэннэ биллибэт. Уол суоҕар эмиэ да тэһийбэт курдук туттар, эмиэ да баарыгар аны дьээбэлииртэн ордубат. -Ээ, суох ини. Ол кэриэтин туһахтарбын көрө тыаҕа тахсыам. Дискотекаҕа тиийэн да диэн. Оскуола истиэнэтин өйөөрү дуо? Миигинэ да суох үҥкүүлүөхтэрэ, — Коля саҥардыбаттыы кытаанахтык быһа-бааччы этээт, хаамыытын түргэтэтэн биэрдэ. ххх Ийэтэ алаадьы астаабыт, остуолун тарда көрүстэ. Аҕата көстүбэт. — Хайа, аһаабакка олороҕут дуо? –уол соһуйар. — Суох. Аҕаҥ от тиэйэ барбыта. Хойутуу кэлэрэ буолуо. Онон эйиигин күүтэн олоробун,- ийэтэ Өкүлүүнэ холкутук хардарар. — Хата, кэл, аһаа. Бүгүн маҕаһыыҥҥа килиэп кэлбэт үһү. Онон алаадьы астаатым. — Алаадьы сиэбэтэх ыраатта. -Арба Светлана Александровна эрийбитэ. Бээтинсэҕэ үһүс оскуола занятиетыгар майаҕастар кэлэн ыалдьыттыыллар үһү. Кэнсиэр кэнниттэн кыракый чаепитие буолар. Онно дьахталлар үҥкүүлээри гыналлар. Эйигин биллэрдэхпитинэ кэлэ сылдьыа дуо дииллэр. -Эрийдэҕинэ, тиийэ сылдьыа диэр. Мин билигин туһахтарбын көрө барыаҕым. Бүгүн кэрийбэтэхпинэ, куобах иҥнибит буоллаҕына, биир эмэ адьырҕа сиир ини,- уол борщ миинин иһэн бурулата олорон, ийэтин диэки сүр дьоһуннаахтык көрөн кэбиһэр. — Куобах ол иҥнэр үһү дуо? Дьон олох суох дииллэр дии,- Өкүлүүнэ ыйытардыы көрөр. — Дэриэбинэҕэ эн саҕа элбэхтик куобах сиэбит суох ини. Итини этэн эрдэхтэрэ, биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт диэн. — Оо, дьэ этэр эттэҕинэ эмиэ да сөп ээ? Хата, оҕом дьарыга элбэх буолан бириэмэни билбэккэ хаалар,- диэн саҥаран баран, сыыһа эттим дии санаан, айаҕын саба туттар. — Һы, ийээ, инбэлиит да буоллар, дьонтон итэҕэс сылдьыбат диэри гынаҕын дуо? – уол ийэтин сүөргүлээбиттии көрөр. — Мин да оҕолор курдук сааланы биир гына сүүрүөхпүн-көтүөхпүн баҕарабын. Ону эн, күннээҕи иирбэ-таарба санааҕа куустараҥҥын, арыгыһыт «быраас» Сэмэнниин сарбыйбыккыт,- Коля ыраатар киһи быһыытынан халыҥнык таҥнан, уһун, халыҥ кууркатын солдатскай курунан ыга тардынан, бэргэһэтин сыҥааҕын түһэрэн, халыҥ соппуоскатын кэтэн, аанын ыга сабан тахсан барда. Өкүлүүнэ уһун сылларга баттаабыт ыар санаатын киэр кыйдыырдыы өрө тыыммахтыырын быыһыгар, «Мечта» оһоҕор сылыта уурбут миискэлээх уутун арааран, тэрээһэтиттэн тоҥ эти киллэрэн ириэрэ уурда. Тыастаах соҕустук хааман телевизорын холбоон тыс гыннарда. Кириэһилэтин тэлэбиисэрин иннигэр чугаһата ыга анньан баран ыгыччы олорунан кэбистэ. Оҕото сирэйгэ-харахха анньарыттан хом да санаатар, эмиэ да сөп ээ. Кырдьык бэйэм буруйдаахпын, тугу да аанньа ахтыбатахпыттан оҕом итинник көнтөс буолан хаалла. «Быраас» Сэмэни итэҕэйэн, дьаабы киһи. Балыыһалар улууска ыыппатылар диэн, онно уоскуйан, олорон хаалбытым. Дьиҥинэн, куораттан чугас олороллор, направлениета суох бэйэ да күүһүнэн барыахха баар этэ. Куоракка тиийээт, травматологияҕа тиийбит буоллар, үүрүө суоҕа этилэр. Ити «быраас» диэн ааттанааччыбыт бэрэбээскилээн эрэ кэбиспитэ. Аҕыйах күн сыттын, оһуо диэн буолбута. Онон бүппүтэ. «Уолуҥ атаҕа сыыһа оһон эрэр. Куоракка киллэрэн көрдөр»,- диэн аҕалара этэ сатаабытын истибэтэх буруйдаах. «Уолбун бэйэм кыбынан барбаккабын. Кэнэним, муҥкугум тарда сыттаҕа»,- диэн ааһар ааспытын кэннэ муҥатыйар. Улахан уолаттара иккиэн биллэр спортсменнар, өрөспүүбүлүкэни ааһан Арассыыйа куораттарыгар тиийэ тусталлар, спорт маастардара. «Колям спортка убайдарыттан ордук буолуохтаах этэ, ону эн эппиэтинэһэ суоххуттан, дьалаҕайгыттан итинник буолан хаалла. Атаҕар, илиитигэр күүстээх, үчүгэй баскетболист, волейболист буолуохтаах киһи хааллаҕа»,- диэн аҕалара наар хомуруйар. Быйыл улууска хары баттаһыытыгар чөмпүйүөннээн аҕалара, бэйэтэ бастаабыт курдук, көтүөр кыната эрэ суоҕа. Ааспыкка куораттан убайдара кэлэ сылдьан хары баттаһыыга бырааттарыгар кыайтаран кыһыйан барбыта. Оскуола физкультураҕа учуутала: «Илиитигэр күүстээх, оскуолаҕа хары баттаһыыга уонна тарбах күлүүстэһиитигэр кимҥэ да иннин биэрбэт. Атаҕа мэһэйдээбэтэ буоллар, мас тардыһыытыгар кими да тутуһуннарыа суоҕа эбит»,- диэн аҕаларыгар хайгыыр аҕай үһү. Быйыл манна үрдүк үөрэхтээх эдэркээн быраас кэлбитэ. Наина Николаевнаны төһө да эдэр буоллар, билиилээх, билэр диэн хайгыыллар аҕай. Сураҕа төрөппүттэрэ иккиэн медиктэр үһү, онон маҥан оппуохалаах балыыһа дьиэҕэ оҕо сааһа ааспыт буолан, олох кыратыттан эмп-том ортотугар үөскээбит. Кыра сылдьан куукулаларын укуоллаан, эппэрээссийэлээн сордуур эбит. Уолун атаҕын кэпсээбитигэр сэҥээрбитэ эрээри, мин кыаҕым иһинэн буолбатах диэн туруору эппитэ. Соҕуруу Кореяҕа барыан, куоракка киирэн рентгеҥҥэ түһэн хирурдарга сүбэлэттэриэн наада диэбитэ. Аҕабар этиэм диэн эрэл санааны үөскэппитэ. Аҕалара сөбүлээбэтэҕэ. Аны кэлэн чөлүгэр түһэн баскетболлаан, волейболлаан имитэн киирэн барыа суоҕа. Инбэлииттэр уопсастыбаларын иһинэн чөмпүйүөн буолан, тас дойду таһымыгар тахсыа диэн саҥарбатах оҥорбута. Онтон Коля сэҥээрэ истибитэ. «Хаһан барабыт?» — бэҕэһээҥҥэ диэри ыйыппыта. Кыһыҥҥы каникулга диэбитигэр «аата ырааппытын»,- диэн саҥа аллайбыта. Оҕом барахсан тэҥнээхтэринээн тэҥҥэ сылдьыан, сүүрүөн-көтүөн баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Бука, үөмэр-чүөмэр үктэммит, лыах курдук үҥкүүлээн тэйэр кэрэ кыргыттары сөбүлүү да көрөрө кэмнээх буолуо дуо? Ону барытын, эдэр сааһын кистэлин, сүрэҕин хайа эрэ муннугар кистии сылдьаахтаатаҕа. “Оо дьэ, чаас ырааппыт дии”,- истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыны көрөн саҥа аллайда. Дьонум кэлэллэрэ чугаһаабыт, онтон мин күөспүн да оһоххо уурбакка олоробун. Дьахтар араас иирбэ-таарба санааларыттан босхолонордуу баттаҕын күүскэ силэйэн, илгистэн ылла.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:41

Эрэл санаа 2ч.

Култуура дьиэтэ. Саҥа өрөмүөннэнэн бүтэн, сибиэһэй лаах сытынан аҥкылыйар муосталара килбэчийэн олорор. Курустаал люстралара сандааран, кулуубу эбии сырдатан, тупсаран биэрэр. Фойеҕа күлбүт-үөрбүт дьон толору. Бүгүн атын нэһилиэктэн “Үһүс саас оскуола”чилиэннэрэ, саастаах дьон кэлэн, сэргэхсийии буолбута тастан көстөр, киирии-тахсыы бөҕө. Бастаан дьиэлээхтэр, онтон ыалдьыттар кэнсиэрдээн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт дьон аны эдэр саастарын эргитэн таансылаары оҥоһуннулар. Светлана Александровна этиитинэн бастаан «шахталаан» бардылар. Сааһырбыт дьон күлэ-үөрэ сэбиэскэй саҕанааҕы ырыалары тыыннара тахсыар диэри кулуубу биир гына ыллаан ньиргиттилэр. Онтон Коля вальсы тардан кэбиспитигэр эдэрдиин-эмэнниин сааланы биир гына үҥкүүлээн эргичийдилэр. Дьахталлар былааччыйалара тэлээрэн олордо.
Уол байаанын тардарын быыһыгар ис-иһиттэн мичилийэ сырдаабыт, уһун, көнө дьылыгыр уҥуохтаах кыыһы бэйэтэ да билбэтинэн, кыраҕытык кэтии олордо. Эдэр исписэлиис кыргыттар үһүс көлүөнэ оскуолатыгар, ыытар тэрээһиҥҥэ көмөлөһө таарыйа, сэргэхсийээри даҕаны, сылдьан эрдэхтэрэ. Быраас кыыс, Наина Николаевна, инньэ диэн ааттыыллар быһыылааҕа. Туналыйа сырдаан, эчи, үчүгэйин. Саһархай суһуоҕун мөлбөччү өрүнэн кэннигэр түһэрбитэ синньигэс биилигэр охсуллара хайдахтаах кэрэний? Сүрдээх истиҥник мичээрдии-мичээрдии кини аттынан эргичийэн аастаҕына, Коля сүрэҕэ «мөҕүл» гынарын бэйэтэ да дьиктиргии санаата. Уолаттартан итэҕэстээх курдук сананан, кыргыттар диэки хайыһан да көрбөт бэйэтэ хайдах итинник истиҥ иэйиигэ оҕустарбытай? Быраас кыыһы өссө сайын сөбүлүү көрбүтэ. Кимҥэ да быктарбакка, истиҥ иэйиитин дууһатын түгэҕэр хаатыйалаан, илдьэ сылдьан, кыыс туһунан дьон иһирэх тылынан кэпсэтэллэрин сэргии-маныы истэ сылдьар. Ити кэмҥэ Светлана Александровна тоһугураан кэлэн, ыалдьыттары чэй иһэллэригэр ыҥырда, уол аттынан ааһан иһэн, «итии чэйдэ иһис» диэн сибис гынна. Бары хоско суугунаһан киирбиттэрин көрөн туран, Коля байаанын уус-уран салайааччы хоһугар уураат, тахсан барда. Оскуолаҕа бүгүн киэһэ сэттэ чааска биэчэр буолуохтааҕын төһө да биллэр, дьиэтин диэки суолу тутта. Коля кирилиэһи санаатыгар чэпчэки баҕайытык түстэ. Кулууптан балачча тэйэ түһээт, кэннигэр кыыс күлэр саҥатын истэн, эргиллэн көрөөт, курус гынна. Быраас кыыс Никита Алексеевичтыын кэккэлэһэ хааман иһэллэр. Сүрдээх истиҥник кэпсэтэллэрин быыһыгар кыыс саҥа таһааран күлэр. Учуутал көрүдьүөстээҕи кэпсии истэҕэ. Санаатыгар сибилигин сылааһынан угуттуу испит халлаан курас, тымныы тыынынан кууһан, дьагдьайан кумуччу туттан, кууркатын тимэхтэрин сүөрэ-сүөрэ хос тимэхтэннэ. Санаата түһэн, уку-суку айаннаата, атаҕа ыараан хаалла. Таах-сибиэ ити үһүс оскуолаҕа баран, итиннэ сылдьыбатаҕа буоллар. Быраас кыыс учууталлыын кэккэлэһэ хаампыттарын билиэ суоҕа этэ. Ити аата кинилэр билсэр буоллахтара. Дьиэтигэр киирээт, саҥата-иҥэтэ суох хоһугар ааста. Оронугар умса түһэн сытта. — Хайа, Коля, тоҕо сыттыҥ? Аһаабаккын дуо? –ийэтэ ааны тэлэйэ аһан киирэн кэллэ.- Ыарыйдыҥ дуо? — Суох, ыалдьыбаппын. Билигин туран аһыам,- уол хардарарын быыһыгар хостон тахсан остуолга кэлэн олордо. Ийэтэ борщтаах миин буһарбыт. Сыпсырыйан иһэ олорон, хараҕа тэлэбиисэргэ холбонно. Олег Колесов “Талбан” биэриитэ буолан, уол кэпсии-ипсии олорор. Үчүгэй биэрии, үчүгэй ыытааччы. Талбан тиэмэтэ бүппэт, бииртэн-биир интэриэһинэй тиэмэни булан, дьону интэриэһиргэтэр быһыылаах. Аҕалаах ийэтэ сөбүлүүллэр аххан. — Хайа, кулуупка сырыттыҥ дуо?- ийэтэ тэлэбиисэр көрөрүн быыһыгар ыйытар.-Светлана Александровна долгуйар этэ. — Сылдьан. — Үҥкүүлээтилэр дуо? — Ханна барыахтарай, үҥкүүлээтэхтэрэ дии, — уол сөбүлээбэтэхтии хардарар. — Сөбүлээбэт эрээри тоҕо барбыккыный?- аҕата кыттыһар.- Ол кэриэтин эрчиллиэххин. Сотору улууска хары баттаһыытын күрэхтэһиитэ буолар дииллэр. Онно кыттыаҥ этэ. — Тренерим Максим Николаевич кыттыаҥ диэбитэ,- Коля олоппоһун тыастаахтык сыҕарытан остуолтан турар. — Оскуолаҕа биэчэргэ барбаккын дуо? – ийэтэ амаҕаччылаан ыйытар. — Суох диэтим буолбат дуо,- уол ийэтин кыыһырбыттыы көрөр. Кини үһүс оскуоланан иирэн, быйыл күһүнү быһа ыра санаа оҥостубут кэрэ иэйиитэ биир мүнүүтэ иһигэр күдэҥҥэ көттө. Наина Николаевнаны инники олоҕун ырата, ымыыта оҥостубута симэлийдэҕэ. Никита Алексеевич былырыыҥҥыттан история учууталынан үлэлиир. Маннааҕы бөһүөлэк уола. Холостуой, эдэр киһи үчүгэй кыыһы таба көрдөҕө. Бэйэтиттэн балыс, көнтөс атахтаах уолу хайа кыыс таба көрүөй? Оттон кыыс, буолан баран киһи хараҕар быраҕыллар. Бэйэм да булан-булан Туйаарыма Куо курдук туналыйбыт ньуурдаах, кыталык курдук кынталдьыйбыт кыыһы сөбүлээн, эрэйи көрдөхпүнүй? Биирбит таҥара маһа, иккиспит күрдьэх маһа буоллахтара. Ол эрээри, тыыннаах киһи тапталтан ханна да куоппат. Мин да киһи буоллаҕым. Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар дииллэр, мин да күнүм үүнэр ини? Наина Николаевна, Найыына… Аата да үчүгэй. Хантан итинник киһи сүрэҕин иһинэн киирэр ааты төрөппүттэрэ булан ааттаабыттарай? Итинник ааты ханна да истибэтэҕэ, билбэт даҕаны. Чэ, ол эрээри, хаһан тэҥнэһээри, тапталынан оонньоомуохха. Ол кэриэтин биир кэлим эксээмэммин уонна күрэхтэһиилэрбин толкуйдаабытым ордук буолуо. Коля дьоно ботур-ботур кэпсэтэллэрин кулгааҕын уһугунан истэ сытан, Наина Николаевна аатын истэн, санаатын ситимэ быстан чөрбөс гынна. — Наина Николаевна биһиги нэһилиэкпит дьолугар кэлбит үчүгэй быраас буолла. Дьэкимнэр оскуолаҕа үөрэнэр орто уоллара иһим ыалдьар диэн сыппыта 3-4 хоммутун кэннэ, аҕата ыксаан балыыһаҕа көтөҕөн киллэрбитин, сатаан айанныыр кыаҕа суох диэн эппэрээссийэлээбит. Муҥурдааҕа үһү. Ол тухары ийэтэ ис эмэ иһэрдэ сылдьыбыт, оҕотун өлөрө сыспыт. Аҕата балыыһаҕа илпэтэҕэ буоллар, туох алдьархайа буолуо эбитэ буолла? Бүппүтүн кэннэ улуустан хирург кэлэн, сөпкө эппэрээссийэлээбиккин диэн хайҕаабыт. Уолу илдьэ барбыт. Хата, уол билигин тэп курдук үчүгэй үһү. — Хаһан ол буолбутуй? – аҕата ыйытар. — Ааспыт нэдиэлэҕэ, өрөбүлгэ үһү. Хирург атын нэһилиэккэ барбытын истэн уонна тэстэр кыахха тиийбит диэн ыксаан күүппэккэ саҕалаабыт. Дьиҥинэн, бэйэтэ исписээлинэһинэн хирург эбит. Миэстэ суох буолан кэлбит. Улууска ылаллара буолуо дииллэр. — Тииһи хамсаппакка да ылар дииллэр,- аҕата ытаһалаан биэрэр. — Кэргэнэ суох. Хайа дьоллоох уол түбэһэр кыыһа эбитэ буолла? Биһиги улахан уолаттарбыт иккиэн кэргэннэрэ суох. Биирдэрэ эмэ Наина Николаевнаны кэргэн ылара буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй? Эчи, суһуоҕа намылыйан, саһарчы көрөн, ханнык баҕарар уол сүрэҕин хамсатыах кыыс. Хаарыан үчүгэй оҕо,- ийэтэ уолаттардаах киһи быһыытынан өрө тыынар. — Баҕа санааҥ улаханын. Эн эрэ уолаттардаах курдук. Оччо үчүгэй кыыс буоллаҕына, ымсыыра көрөөччүлэр элбэхтэр ини,- аҕата буоларын курдук биир-икки этиинэн судургутук этэн кэпсэтиини түмүктүүр. Ийэтэ саҥарбат. Иһитин сууйан талыгыратар тыаһа иһиллэр. Коля быраас кыыс туһунан хайҕал тыллары истэн, бэйэтин хайҕаппыт курдук сананан сирэйигэр мичээр толбоно түһэн, уоскуйа быһыытынан, суорҕанын бүрүнэ тардынан, улам халтаһата ыараан утуйан барда.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:42

Эрэл санаа 3ч.

Сырдык, ыраас, толору тэриллээх киэҥ-куоҥ балыыһа. Ыарыһахтары көрөр кэбиниэккэ маҥан халааттаах Наина Николаевна туналыйан олорор. Аттыгар сиэстэрэ Нина кыыс сотовай телефонугар тугу эрэ кыһаллан-мүһэллэн суруйар. — Чэ, биллэрии бөҕө ыыттым. Өйүүҥҥэ диэри көрөллөр ини? Диспансеризация диэн, дьэ, абыраллаах көрүү. Сыллата дьон бөҕө көрдөрөн абыраналлар,- Нина телефонун остуолга уурар. — Оннук, ол эрээри, мин саныахпар туга эрэ тиийбэт. Быраастар, нэһилиэккэ таҕыстахтарына, ыксал бөҕөнөн сүүрэ сылдьан көрөллөр. Дьиҥинэн, аппарааттарын барытын тиэйэ сылдьан, хонон-өрөөн көрөллөрө буоллар, нэһилиэнньэ астыныа этэ. — Оннук. Бүгүн көрдөрөөччү олох суох. Эбиэттэн киэһэ кэлиэхтэрэ. Эбиэттии барбаппыт дуо? – Нина ыйытардыы бырааһын көрөр. — Баран. Бэҕэһээ үһүс көлүөнэ оскуола тэрээһинигэр сылдьыбытым. Онно ити байаанныыр уол туох оҕонуй? — Наина Николаевна интэриэһиргээбит киһи быһыытынан ыйытар. — Коляны этэҕин дуо? Оскуола оҕото, аата булан-булан ыйыттаххын,- сиэстэрэ бырааһын соһуйбуттуу бэрт болҕомтолоохтук көрөр. — Онтукаҥ атаҕа көнтөс ээ. Кырдьык, байааҥҥа наһаа үчүгэйдик оонньуур. Атаҕа үчүгэйэ буоллар, спортсмен бэрдэ буолуо этэ. Билигин да остуол оонньууларыгар инники күөҥҥэ сылдьар быһыылаах. — Байааҥҥа наһаа үчүгэйдик оонньуурун иһин ыйытабын. Чэ, эбиэккэ барыахха,- Найыына бэрт чэпчэкитик туттан турар. – Киһи хас ыйыттаҕын ахсын, атыҥҥа эргитэ өйдөөн, соһуйбута-өмүрбүтэ буолума эрэ. — Оччоҕо саҥата суох уу ньимиликээн буолабыт дуо? — Ээ, чэ, наһаа да оннук буолбатар. Хата, ол уол медицинскэй карточкатын аҕал эрэ. Атаҕын туппуттарын кэннэ тоҕо атаҕа көнтөс буола оспутун билиэхпит. Мин аҕам РФ үтүөлээх хирура. Киниэхэ көрдөрүөм этэ. Сыыһа остоҕо дии. Пахай, туох да суруллубатах дии. Ыраас илиис. Маннааҕы балыыһа үлэһиттэрин дьалаҕайдарыттан атаҕа сыыһа оспут эбит. — Онтон «быраас» Сэмэн иһэ-аһыы сылдьан оҕо атаҕын сыыһа туттаҕа дии. Төрөппүттэрэ да, тыа дьоно, Сэмэни эрэнэннэр, кыһамматах буоллахтара,- сиэстэрэ Нина мунчаарбыттыы хардарар. — Баҕар, наада буоллаҕына, Соҕуруу Кореяҕа баран эппэрээссийэлэтиэн сөп буоллаҕа. Дьонноро төһө кыахтаахтарый? Спонсорство да көрдүөхтэрин сөп. Эдэр киһини аһына көрөбүн,- Найыына хатыҥ сэбирдэхтэрэ тононон, сири-дойдуну бүтүннүү саһархай кыраасканан бүрүйэ түһэллэрин түннүгүнэн мунчаарбыттыы көрөн олордо. — Эбиэт буолла, барыахха. Хата «Успех» маҕаһыыҥҥа сылдьан ааһыах,- кыргыттар түргэн соҕустук хомунан тахсаллар. — Оо, кыһыммыт барахсан, дьэ, дьыбарсыйан кэлэн истэҕэ. Хаарыан күһүн бүттэҕэ. Сотору аргыардаах ахсынньы, торулуур тымныылаах тохсунньу ыйдар тигинээн кэлиэхтэрэ турдаҕа. Ыччака,- Нина тохтоло суох чубугуруу иһэн, санаатын ситэ эппэккэ, кэтэмэҕэйдээбиттии, куолаһын аччата охсор,- Эбиэт саҕаланна да. хайаан да вызов буолар буоллаҕа. — Тоҕо инньэ диэтиҥ? — Онтон көрбөккүн дуо, Семеновна ыксаан-бохсоон иһэр. Кыргыттар, хаамыыларын бытаардан, тохтоон, күүтэн турдулар. Ыксаабыт, сирэйэ тэтэрэ кыыспыт, тириппит-хоруппут дьахтар түргэн хаамыынан чугаһаан кэллэ. — Дорооболоруҥ, кыргыттаар. Найыына Николаевна, кэргэним бэргээтэ. Бэҕэһээҥҥиттэн түҥ-таҥ саҥарар. Билигин олох да саҥарбат, мээнэни көрөн баран сытар. Этэ ип-итии, кыраадыс бөҕө. — Оо, онтон сарсыарда эрдэ ыҥырыаххын. Чэ, бардыбыт. Промедол баар дуо? — Баар. Бэҕэһээ киэһэ Нина уколлаабыта. Бүгүн эбиэттэн киэһэ сылдьыах буолбута, — дьахтар ыксаабытыттан хараҕын биир кэм чыпчыҥнат да чыпчыҥнат буолар. Дьахталлар түргэн хаамыынан дэриэбинэ хоту уһугар бараллар. Хараҥа өҥнөөх саһархай полистиролунан бүрүллүбүт, хаачыстыбалаахтык тутуллубут икки этээстээх дьиэ аанын тэлэччи аһан, үһүөн субуруһан киирэллэр. Найыына киирээт, ыарыһах иккис этээстэн бастакы этээскэ түспүтүн, аһыыр остуоллара бэттэх аан таһыгар кэлбитин бэлиэтии көрөн, аҕалара дьонун харыстаан баҕатынан аллараа түстэҕэ диэн сэрэйэ санаата. Уйбаан 60 сааһын саҥа ааспыт киһи ыарыы бөҕөҕө ылларан, кумааҕы курдук кубарыйан, хараҕын быһа симэн сытаахтыыр. Куртах рага буолан, балыыһа бөҕөнү кэрийэн, кэлин аккаас ылан, киһи аатыттан ааһан, күн аахса сыттаҕа. Нина түргэн-тарҕан соҕустук туттан, укуолун биэрээт, систиэмэ туруорбутунан барда. Уйбаан барахсан хараҕын нэһиилэ аһан, үһүөннэрин кэриччи көрө сытан, хатырбыт уоһун аргыый сэгэтэн тугу эрэ этэрдии туттубутун көрөн, кэргэнэ Анна Семеновна инчэҕэй баатанан уоһун сотон биэрдэ. — Антах бар,- ыарыһах кэргэнигэр биллэр-биллибэттик «бар» диирдии илиитинэн бэлиэ биэрбитигэр Семеновна саҥата суох тэйэн биэрдэ. — Тыыным кыайан тахсыбакка, эрэйи көрдүм. Күнү-дьылы эрэ аахса сытабын,- Уйбаан кыыкынаан саҥарбытыгар икки омурда хапсыҥнаан ылла,- Тэһитэ кэйиэлээҥҥит күттүөннээх миэстэ да хаалбата. Син-биир үтүөрбэппин. Олус эрэйдэммэккэ бүтүөхпүн баҕарабын. — Ээ, Уйбаан, туох диэн тылластаххыный? Сыыйа үчүгэй буолуоҥ дии,- Нина систиэмэтин көннөрөн көрөрүн быыһыгар хардарар. — Хайдах да буолуум, ыҥырдахтарына аны кэлимэҥ. Сэниэм эһиннэ,- Уйбаан хараҕын быһа симэ сытан нэһиилэ саҥарар, — Эдэр сааспыттан тырахтарыыс буолан, кыһыннары-сайыннары тиэхиникэни кытта тииһэн, тоҥон-хатан, ыарыыны ыарыы диэбэккэ, эмтэнэр-эмтэммэт икки ардынан сылдьан, кылгас үйэлэнэр дьылҕалаах эбиппин. Кыра эрдэхпиттэн тулаайах хаалан, аһыыр-аһаабат сылдьыбытым. Аны киһи-хара буолан, дьэ, олох олоруохтаах этим, ону сөбүн олордуҥ диирдии, ас барбат буолан, куһаҕан ыарыыга хаптардаҕым, абаккатын. Амтаннааҕы аһаабакка, минньигэһи амсайбакка, ас сытынан тотон, кыһалҕа бөҕө көрдүм. Маннык ыарыыны өстөөхпөр да баҕарбаппын. Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Чэ, эһиги барыҥ. — Уйбаан, тулуйа сатаа. Ыарыыга бэринимэ. Билигин арыый чэпчиэҥ. Киэһээ кэлиэхпит. Биһиги ыарыһаҕы эмтиир эбээһинэспит. Эмчиттэр олохпут сүрүн соруга – дьону эмтээһин, кинилэр эрэйдэрин-муҥнарын чэпчэтии буолар. Кытаат, тулуй,- Найыына Уйбаан илиитин сэрэнэн ыга тутта, — Чэ, биһиги бардыбыт. Кыргыттар тахсалларын кэтээн туран, Анна Семеновна кэргэнин таһыгар олоппостоох кэлэн олорор. — Баанньыккын отун. Тыыннаахпына, суунуохпун баҕарабын, — Уйбаан иһиллэр-иһиллибэттик саҥарар. — Хайдах суунуоххунуй? Тулуйуоҥ дуо?- Анна Семеновна соһуйа түһэр. — Өлбүтүм кэннэ сууйарыҥ ордук дуо? Уолаттаргын кытта баалынайга сууйаргыт ыарахан буолбатах. Чэ, бар, сылайдым. Нуктаан ылыам. Уолаттары ыҥыр, баанньыгы бэлэмнээҥ. — Сөп,- дьахтар түһэҕиттэн тардыһан, ыараханнык туран тахсан барар, икки чанчыгынан сүүрэр хараҕын уутун сотторун быыһыгар ыал буолан туспа олорор уолаттарын суотабай төлөпүөннэригэр күүскэ баттаталаан эрийдэ.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:42

Эрэл санаа 4ч.

Оскуола. Уруок бүтэн, көрүдүөр оҕо саҥатынан туола түһэр. Тип-тигинэс, кыра, орто саастаах уолаттар төттөрү-таары сүүрэн мэлэкэчиһэллэр. Онтон кыргыттар сиэттиһэн баран төттөрү-таары хаамсан аалыҥнаһаллар. Үрдүкү кылаас кыргыттара, уолаттара кылаастан тахсыбакка, түннүккэ, муннукка тоҕуоруһаллар. — Хайа, Коля, улууска хары баттаһыытыгар хаһан барар буоллуҥ? – табаарыһа, уһун синньигэс, акылдьыйбыт Ким уол үөрэнэр остуолун үрдүгэр олорон ыйытар. — Кэлэр нэдиэлэҕэ дииллэр. Хата, бу субуотаҕа Тандаҕа саха национальнай оонньууларыгар, чуолаан мас тардыһыыга, хары баттаһыыга нэһилиэктэринэн күрэхтэһии буолар. Фестиваль үһү. Онно барыахтаахпын эрээри,- Коля сирэйигэр кыйахаммыт быһыы көстөр. — Онно тоҕо барыаххын баҕарбаккын? Бэрт буоллаҕа дии,- Ким дьиктиргээбиттии көрөр. — Ээ, суох, атынтан. Москваҕа 18-40 сааһыгар диэри саастаахтарга инбэлииттэр икки ардыларыгар хас да көрүҥҥэ күрэхтэһии буолар үһү. Онно ыытаарылар ньиэрбэбин барытын сиэтилэр, — Коля кыйахаммытыттан сирэйэ дьэс кытарар, сымыһаҕын быһа ытырар. — Эс, бардаҕыҥ дии. Ийэ дойду тэбэр сүрэҕэр мин үөрүүнэн барыам этэ. Эн буоллаҕына мундуйдуу олороҕун. — Мин инбэлиит буолбатахпын. Инбэлииттэр күрэхтэһиилэригэр кытын диэн эттэллэр эрэ, ис-испиттэн оргуйан, кыыһыран барабын. Бэл, аллергиялыы сыһабын. Эт- этим кыһыйбытынан барар. Ол сүрэҕэ, эппиэтинэһэ суох, арыгыттан күнэ-ыйа тахсар иһээччи Сэмэн «бырааһы» итэҕэйэн, дьонум хирурга көрдөрбөккөлөр, атаҕым маннык көнтөс буола оспут. Дьиҥинэн бэйэм муус доруобайбын,- Коля, бэл, хараҕа сиигирэн, чаҕылыйан ылар. – Дьаабы киһи. Көрдөхпүнэ, эт-этим барыта күүрэн, сутурукпун ыга туттубуппун бэйэм да билбэккэ хаалабын. — Кэбис, доҕор, илиигэр күүстээх киһи биирдэ эрэ охсон хаалыаҥ. Киһини эчэтэҥҥин аны хаайыы аһылыга буолаайыккыный? Билигин киһи эрэһээҥки хаайыыттан дьэбэрэҕэ түһэрэ түргэн,- Ким кырдьаҕас киһилии, боччумуран олорон быһаарар. — Ээ, чэ, кырдьаҕаһымсыйан бүт, — Коля табаарыһын өттүккэ аспытыгар уола остуолтан сууллан истэҕинэ, илиититтэн харбаан ылар. -Айа, доо, киһини умсары охсо сыстыҥ дии. — Бэйэҥ да, тыал ханна үрэр да, кыыска дылы суулла сылдьаҕын. Мөлтөх киһигин. Инбэлиит таарыйдаҕын ахсын, охтор буоллаххына, хайдах сир үрдүгэр хаама сылдьаҕын? – Коля күлэр. — Диэмэ даҕаны,- Ким бигэргэтэрдии табаарыһын саннын таптайбахтыыр. Уолаттар күлсэ-күлсэ кылаастан тахсан бараллар. Көрүдүөргэ тахсаат, утары кылааска медиктэр баалларын соһуйа көрөллөр. — Хайа, прививкэ оҥоро сылдьаллар дуу? Кирииби утары буоллаҕа дуу?- Ким соһуйар. — Оннук ини,- Коля сэҥээрбэтэх куолаһынан хардарар. Электрическэй чуораан уруокка ыҥыран өрө тырылыы түспүтүгэр сүүрэ-көтө, өрө мөхсө сылдьыбыт оҕолор кыыстыын-уоллуун кылаастарыгар сырсан тилигирэстилэр. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ аа-дьуо кылаастарыгар киирдилэр. Коля Найыына Николаевна остуолга төҥкөйөн суруйа олорорун көрөн ааста. Сотору история учуутала Никита Алексеевич киирэн, хатылааһын диэн, дьоһумсуйа туттан, кылаас сурунаалын үөһэттэн-аллараа эргитэ сыымайдаан көрөн истэҕинэ, кылааһы тобугуратан тоҥсуйа түһээт, балыыһа сиэстэрэтэ Нина киирэн кэллэ. — Бастаан уолаттар, онтон кыргыттар киирэҕит, — диэн этэрин кытта, түргэн туттуулаах дьон, уолаттар, ааҥҥа кыбылла сыһан, анньыалаһан тахсан бардылар. Бастаан Найыына Николаевна доруобуйаларын туругун иһиллээн бэрибиэркэлээн баран, айахтарын атытан, күөмэйдэрин көрөр эбит. Көрүү кэнниттэн сиэстэрэ Нина прививкэни бэрт сылбырҕатык туттан биэрэр. Бары бүтэн тахсан истэхтэринэ, быраас: “Коля, эн хаал”,- диэбитигэр соһуйан, бэйэтэ да билбэтинэн, кытаран киирэн барда. Олоппос ылан, Найыына Николаевна утары олордо. — Туох баарый? – бэрт холустук ыйытар. — Атаҕыҥ хаһааҥҥыттан ыалдьар? Тоҕо итинник хаамаҕын? – уол симиттибитин бэлиэтии көрөр. – Бүгүн эбиэттэн киэһэ балыыһаҕа көрдөрө кэлээр. Карточкаҕар туох да суруллубатах. — Аны кэлэн, 14 сыл ааспытын кэннэ, көрдөрөр туох наадалааҕый? – Коля ойон туран тахсан истэҕинэ, кэнниттэн Нина саҥата чаҕаарыйа түһэр. — Кэлээр, кэлээр, билигин медицина күүстээх. Ол 14-15 сыллааҕы курдук буолуо дуо, үйэ уларыйан турар. Найыына Николаевна, эбиэт буолла, барбаппыт дуо, эбиэттэн киэһээ көрдөрөөччү элбэх буолара буолуо. Аны сарсын ситэри биэрэр инибит? — Сөп, сөп. Барыахха. Учууталлар барахсаттар хайдах тулуйан үлэлииллэрэ буолла? Оҕолор айдааннарыттан куу-хаа буоллум, — Найыына күлэр. — Куһаҕан сонуннаахпын. Анна Семеновна эрийэ сырытта. Уйбаан барахсан, барбыт. Биһиги кэннибиттэн бэйэтэ баҕатынан баанньыктаабыттар. Сэргэхсийбит аҕай үһү. Биир кыра тэриэлкэ миин, үүттээх чэй испит. “Сарсын саалаҕа көһөрүө этигит”,- диэхтээбит. Ол кэнниттэн үчүгэй баҕайытык кэпсэтэ сытан нуктаабыт. Утуйда, арыый буолбут курдук диэн, Анна Семеновна иһитин хомуйбут, онтон уолаттар дьиэлэригэр барбыттар. Иһитин хомуйан киирбитэ, утуйа сытара үһү, этэ-сиинэ сөрүүн, температурата суоҕа диир. Онтон чаас курдук утуйа түһэн ылыам дии санаан, сытан баран, эмискэ 12 чааска уһукта биэрбитэ, Уйбаан барахсан ыарыы бөҕөҕө ылларан сытар эбит. Уолаттарын ыҥырбыт. Тулуйбакка хаһаас уколлааҕын биэрбит да, өйдөммөккө бүгүн 11 чаас ааһыыта тыына быстыбыт. Биһигини ыҥыраары гыммытын уолаттара ыҥыттарбатахтар. Сибилигин эрийдэ. Бара сылдьар инибит? Ол иһин кылааһы ыҥырбатаҕым,- Нина долгуйбут куолаһынан кэпсиир. — Сөпкө гыммыккын. Бара сылдьар буоллахпыт. — Уйбаан барахсан, кытаанах санаалаах киһи, ыарахан ыарыыны кытта тулуктаһа сатаата. Олох барытын бэйэтэ дьаһайа сытан бараахтаата быһыылаах. — Чэ, барыахха. Кыргыттар оскуолаттан тахсан бараллар.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:43

Эрэл санаа 5ч.

Өкүлүүнэ Арамаанынаан үс атахтаах төгүрүк сахалыы остуолларыгар киэһээҥҥи күөстэрин аһыы олороллор. Кинилэр оҥоһуу лапсалаах, кырбаһынан буһарыллыбыт эттээх миини иһэллэрин сөбүлүүллэр. Сылаас, хойуу эттээх миини сүөгэйдээн баран астына иһэрин, этин сааһынан ип-итии сүүрээн илгийэ сүүрэрэ, эбиитин оһох тигинэччи оттуллан, дьиэни сылааһынан угуттуура, хайа саха ыалын үөрдүө суоҕай? Апросимовтар эмиэ оннук дуоһуйууга киирэн олорон, күннээҕи иирбэ-таарба дьиэ иһинээҕи сонуннарын оргууй наллаан кэпсэтэ олордулар. — Бүгүн Колябыт эбиэттэн киэһэ балыыһаҕа бара сылдьан өрө көтөҕүллэн аҕай кэллэ. Хоһугар киирэн сыппахтыы түһээт, оскуолаҕа барардаахпын диэн ыстаммыта. Хаһан да киэһэтин оскуолаҕа барбат буолар этэ,- Өкүлүүнэ аҕаларыгар чэй кута олорон кэпсиир. — Уолаттара кучуйан барда ини. Ол балыыһаҕа туохха бара сырытта?- Арамаан соһуйбуттуу көрөр. — Оскуола оҕолоро прививка ылаллар быһыылаах. — Ээ, сөп. Улахан дьоҥҥо биэрэллэрэ дуу? Былырыын прививка ылан, хайдах эрэ кириипкэ ылларбатах курдук саныыбын ээ,- Арамаан сэҥээрэ түһэр. — Ээ, мин итэҕэйбэппин. Сыл ахсын ылар курдукпун да, хас кириип кэллэҕин ахсын ыалдьабын. Биир ыйдааҕы пенсиям эмкэ бүтэр,- Өкүлүүнэ күлэн, үрүҥ тииһэ кэчигириир. – Оо, хата, оҕом кэллэ. Коля, кэл, мииҥҥин тымныйа илигинэ иһэ оҕус. Уол элбэх ыҥыттарыыта суох остуолга олорон, миини кытта арыылаах килиэби харса суох мотуйбутунан барар. -Хайа, Коля, туох сонуннааххын? – имири-хомуру аһыы олорор уолун аҕата таптаабыттыы көрөн олордо. — Балыыһаҕа бара сырыттым. Найыына Николаевна атахпын тутан-хабан көрөн баран, Соҕуруу Кореяҕа маны кыайаллар диэтэ. Биһиэхэ да оҥоруохтарын сөп үһү. Кини аҕата, ийэтэ уонна Наина Николаевна бэйэтэ хирурдар эбит. Сарсын, ийээ, эйигин көрсүөх буолла,- Коля төрөппүттэрин үөрбүт хараҕынан иккиэннэрин хардары-таары көрдө. — Оо, куттала бэрт буолбатах дуо? Улахан, сиппит киһи уҥуоҕун хаттаан тоһутан сөпкө тутар ыарахан буолуо ээ, — ийэтэ куттана түһэр. — Ол «бырааспыт» киһи карточкабар тугу да суруйбатах эбит. Ону күнүн-дьылын ыйан туран, атаҕым историятын толороору гынар, — уол ийэтин диэки куһаҕан баҕайытык көрөр. — Сөп, сөп. Ыйыттаҕына, кэпсиэм буоллаҕа. Иккиэн дьэ, Апросимовтарын хаанын киллэрэн өргөс курдук көрөн олордулар дии. Харчылаах дьоҥҥо Соҕуруу Корея эрэллээх буолуо эбит. Манна Дьокуускай куоракка оҥорторор сэрэхтээх. Олох атаҕа суох оҥоруохтарын сөп. Хас сыл ааста? — Бүт эрэ. Кыһытар буоллаххына, суолу-ииһи, ханна тиийэри барытын ыйар киһи баар буоллаҕына, Соҕуруу Кореяҕа барбыта ордук. Дьиҥинэн, эрдэттэн да толкуйдуохха баар этэ. Ону биһиги ийэбит олох туохха да кыһаммат, ыйыталаспат. Биир үөр сылгыны атыылаатахха, Соҕуруу Кореяҕа, саатар, суол аҥарыгар тиийэр ини? — Чэ, мин уолаттарга бардым. Сотору кэлиэм. Онтон эппэрээссийэлэннэхпинэ, атаҕым чахчы көнөр буоллаҕына, туохтан да тутуллубаппын. Үйэм тухары дьонтон итэҕэстийэн, инбэлиит аатын ылыахпын баҕарбаппын, — Коля олоппоһун тыастаахтык анньан, куукунаттан тахсан барар. — Ити уол кыыһырдаҕына, хараҕын түҥнэри көрөн, баттаҕа өрө туран, тыастаахтык хааман үүт-үкчү эн аҕаҥ, эһэтин курдук буола түһэр, — ийэлэрэ аҕатын диэки хомуруйардыы көрөр. – Бары миигин өстөөх курдук көрөҕүт да, оччолорго эн да баарыҥ дии, тоҕо кыһамматаххыный? Мин эрэ ыйыыбынан олох олорбут киһиэхэ дылы хообургуу олороҕун. — Эһэтин баппакка кими батыай? Уолаттартан саамай биһиги аймаҕы баппыт кини эрэ, — аҕалара санаатын этэ олордо. — Бар, сыспай сиэллээххин аһата тахсыбакка, киһи хараҕын аала олорума. Таһырдьа таҕыс дуу, хайаа дуу?- ийэлэрэ кыйахаммыттыы сирэйэ-хараҕа дьэс кытарбыт. — Олус да кыыһыран түһэҥҥин. Буруйдааххын буруйдаах диэбэккэ, туох баарый? Эн тута улууска хирурга барыахтаах этиҥ. Мин да бэйэбин буруйдааҕынан ааҕыммат буолбатахпын. — Онтон хас сырыы ахсын киһини хомпуустаабакка, былыр үйэтээҕи буолбут суолу эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэр табыллыбат дуо? Дьылҕа хаан ыйааҕа диэн эмиэ баар. -Дьылҕата диэри гынаҕын дуо? Оһоллонон атаҕа көнтөс буолбута эмиэ дьылҕа диэн ааттанар муҥа буоллаҕай? Медиктэр, төрөппүттэр өртүлэриттэн дьалаҕай быһыы ини? — Чэ, бүт. Уолум туһугар мин эмиэ кыһаллыбат үһүбүн дуо? Чахчы кыайар буоллахтарына, тэбэнэн да туран эмтэтиэхпит буоллаҕа, — Өкүлүүнэ Арамаанын диэки сымнаҕастык көрөрүн быыһыгар эйэ-дэмнээхтик саҥарар. — Хата, инньэ диэ. Наина Николаевнаны көрсөн кэпсэтиэҥ этэ. Ити киһи ситэ ыйыппатаҕа да, истибэтэҕэ да буолуо. Кредит да ылан ыытыахпыт. Оҕом кырдьар-сорсуйар сааһыгар диэри наар инбэлиит аатыран, биһигиттэн хомойо сылдьыан баҕарбаппын. — Билигин иһиппин хомуйан баран, маҕаһыыҥҥа бара таарыйа балыыһаҕа охсуллан ааһыам. Сирэй көрсөн кэпсэтэн көрүллүө этэ. — Сөп, чэ. Мин Уйбааммар бардым. Тугу эмэ көмөлөһүөм. Хаарыан киһи… куһаҕан ыарыыга ыалдьан олус эрдэ бараахтаата. Дьиҥинэн оҕо сааһыттан алдьархай тэтиэнэх, чэгиэн киһи этэ. Ыһыахтарга тустан, хапсаҕайдаһан, мас тардыһан, сүүрэн тэҥнээҕин булбата, иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ. Маастар буолуох киһи эрдэ кэргэннэнэн, үөрэммэккэ-дьарыктаммакка хаалан хаалбыта. — Ыһыахтарга күлүмэх курдук сүүрэн, дьон-сэргэ астынар аҕай этэ. Нэһилиэккэ үчүгэй физкультура учуутала, тириэньэр суоҕа тэптэ быһыылаах. Оҕо сырыттаҕына, эккирэтэ сылдьан дьарыктыыр тириэньэрдээҕэ эбитэ буоллар, кырата маастар буолуохтааҕа хааллаҕа,- Өкүлүүнэ сэргиир. Дьиэлээхтэр эйэ-дэмнээхтик кэпсэтэллэр, дьиэттэн тахсан бараллар.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:43

Эрэл санаа 6ч.

Наина Николаевна, бүтэһик ыарыһаҕы көрөн бүтэн, тыыллаҥнаамахтаан ылла. Көһүйбүт эбит. Ити эдэр ийэ оҕотун аанньа ахтан көрбөт дуу? Дьүдэҕэ сүр, улуус киинигэр көрдөрө киир диэтэххэ буолуммат, аҕыс-тоҕус ыйдаах оҕо курдук. Олох аһаабат диир. Хаана олох суох, эбиитин анемиялаах. Социальнай үлэһиттэргэ этэн, туох эрэ быһаарыныыны ылыммыт киһи. Улуустааҕы реабилитационнай кииҥҥэ бииртэн алта ыйыгар диэри көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору ылаллар эбит. Онно бэрдэрбит киһи. Кэм, үчүгэй усулуобуйаҕа, аһаан-сиэн, арыый да өрүттүө этэ. Чэ, бээ, барыахха, — кыыс түргэн соҕустук ойон туран, халаатын уһула охсон, таҥнан таһырдьа таҕыста. Сааскы сибиэһэй салгын сайа оҕуста. Саас барахсан кэлэ оҕустаҕа түргэнин. Хаар чарааһаан, көмүрүө хаар тахсан, сири-дойдуну күн уотуттан араас өҥүнэн күлүмүрдэтэ оонньотон, киһи хараҕа саатар чаҕылхай күнэ буолбут. Сотору халлаан сылыйан, бадараан бөҕө тахсара буолуо. Өрүс суола сабыллан, сырыы тохтуо дииллэр да, “Ирбис” диэн абыраллаах айан тэрилэ баар. Куоракка хайа да кэмҥэ сырыы тохтообот. Өссө сотору илин эҥэргэ муоста тутуохтара диэн үөрдэллэр. Чэ, тутулуннун. Дьон олоҕун уйгута тупсуо этэ. Кыыс төбөтүн кыҥначчы туттан аргыый наскылдьыйа хааман иһэн, иннигэр суолун бүөлүү уолаттар дьирэс гыммыттарыгар соһуйан, өрө чинэккэлии түстэ. — Наиначаан, ханна бардыҥ? Үлэҥ чааһа бүттэ дуо? — Бүтэн, онно туох баарый? – кыыс уолаттар ыган кэлбиттэригэр кэннинэн тэйэн биэрдэ. — Бачча үчүгэй кыыс соҕотоҕун олороҕун? Чуҥкуйбаккын дуо? Кулуупка тоҕо сылдьыбаккын, куорат кыыһабын диэн улахымсыйаҕын дуу? “Тиэтэйбит” киинэ кэлбит. Киэһээ 7 чаастан буолар, кэлээр, ыҥырабыт,- “Бөһүөлэк бастыҥ уолабын” дэнээччи Миисэ уол кыыс иннин күөйэ сырытта. Сибилигин охтуох курдук тэмтэриҥниир, айаҕыттан арыгы дьаардаах сыта аҥкылыйар уолу тумна сатаата. — Ээ, чэ барыаҕыҥ. Билигин баһылыкка тыллаатахтарына, участковайга биллэрэн, улууска төттөрү-таары тиэһиннэхпитинэ, дьыалабыт хаахтыйар буоллаҕа. Буруйдаах син-биир биһиги, куһаҕан дьон, буолуохпут, — уһун акылдьыйбыт уол табаарыһын тута сатаата. — Ээ, суох. Быраас, мааны да кыыс буоллун. Биһиги да дьоннорбут ээ. Кини биһигиттэн туох ордуктааҕый? Хата, ааҕыстахха, биһиги ордуктаах инибит,- Миисэ табаарыһын илиитин киэр садьыйаат, илиитинэн тиэрэ-маары дайбаан, өрөһөөхтөнөн барда.- Дьэ, бэйиккэй, иннигин тымтыктанан көрбүт суох, сааппакка, сотору биир муостаҕа туруохпут. — Быраас кыыстан ордоору гынныҥ дуо? Бардыбыт, — Өстүөпэ табаарыһын тардыалаһарын тохтоппот. — Ээ, бар,- Миисэ табаарыһын тиэрэ саайан түһэрдэ. — Хайа, бу тугуй?- кытаанах соҕус саҥа иһиллибитигэр Миисэ соһуйан хонос гына түстэ. — Ээ, илиитигэр баабый күүстээх Коля уолгун дуу, дьэ, киирсэн көрүөх эрэ, хайабыт буолар. Мин да эдэр эрдэхпинэ, иҥиирдээх уол этим. Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан, убайдаргар куоласкын сонотоҕун дуу? Кэл эрэ,- диэт, туох баар күөнүнэн уолга саба түстэ. Коля сымса баҕайытык халбарыс гынаат, уолу аҥар илиитин эрийэ тутан баран, умса аспытыгар, тоҥуу хаарга сирэйинэн баран түстэ. Уолаттар мочоолоһор кэмнэригэр Найыына сорунуулаахтык түргэн хаамыынан дьиэтигэр барда. Аҕылаан-мэҥилээн, дьиэтин аанын күлүүһүн титирэс илиитинэн нэһиилэ аһан киирээт, иһиттэн түргэн үлүгэрдик хатаан кэбистэ. Төттөрү-таары хаамарын быыһыгар тас таҥаһын уһулан, халаатын кэтэ охсон, электрическэй билииткэҕэ чаанньыктаах чэйин сылыта уурда, телевизорын холбоон тыс гыннарда. Үүттээх хойуу чэй иһэн уоскуйуо. Онтон сонуннары истэн, “Күдээринэ күүрээн” сериалын көрөн баран, вызов суох буоллаҕына, эрдэ да буоллар утуйуо этэ. Дэлби сылайда. Сатахха, ити уолаттар туругун ыһан кэбистилэр. Бүгүн кулуупка баран “Тиэтэйбит” киинэни көрөр былааннааҕа. Кини оҕо эрдэҕиттэн да классик суруйааччылар айымньыларын сөбүлээн ааҕар этэ. Ол бука ийэтин эдьиийэ Марина Тарасовна, саха тылын уонна литературатын учуутала, батыһыннара сылдьан ааҕарга үөрэппититтэн буолуо. Бэл, эдьиийин курдук саха тылын учуутала буолара буолуо дииллэрэ да, ийэлээх аҕатын көрө улаатан медик буолар баҕата баһыйбыта. Дьиктитэ баар, эмп сытынан аҥкылыйбыт балыыһа сытын күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр. Ити эмискэ Коля хантан күөрэс гыммыта буолла? Атаҕа үчүгэйэ буоллар, спортка ыраатыа эбит. Күннээх халлааны бүтүннүү сабардыах көрүҥнээх киппэ уолу начаас оннун булларда буолбат дуо? Хап-харанан дьоһуннаахтык, ол эрээри эмиэ да таайтарыылаахтык көрбүт уол тоҕо эрэ кини суолугар олус элбэхтэ көстөр буолла. Икки өттүттэн бэйэ-бэйэни сөбүлэһэ көрсөр чуубустуба үөскээбитэ буолуо дуо? Кэбис, оҕо буоллаҕа, 18-таах уолга уонна 23 саастаах кыыска туох интэриэс, сибээс баар буолуон сөбүй? Биэс сыл разница улахана бэрт. Өссө кини оскуолаҕа алта сааһыгар эрдэлээн киирэн, наһаа сааһырбакка, үлэһит буоллаҕа. Бииргэ үөрэммит кыргыттара: “Саамай кырабыт, оҕобут, аччыы-аччыы, өйө бэрт ээ”,- диэн күлээччилэр. Оскуолаҕа, университекка уолга олох наадыйбатаҕа. Дьэ, билигин кэлэн, сиртэн халлаан ырааҕын кэриэтэ, эдэр оҕону саныыр буоллаҕа үһү. Киһи кыбыстыах. Никита Алексеевич эйигин сөбүлүүр, көрдө да хараҕа чаҕылыйа түһэр дииллэр да, тоҕо эрэ сүрэҕэ тэппэт, төһө да табаарыстыы истиҥник кэпсэттэллэр, хата, Нината сөбүлүүр курдук. Уолу көрсө түстэҕинэ, иэдэһэ тэтэрэ түһэр, тылынан кынаттаммыт бэйэтэ чуумпуран хаалар. Кинилэри холбооттообут киһи, бэйэ-бэйэлэригэр барсар, үчүгэй пааралар. Бэҕэһээ Нината этэн эрэрэ: “Наһаа оскуола үөрэнээччитэ диэн уолу сэнээмэ. Уол дьиҥнээхтик сөбүлүү көрбүт быһыылаах, тоҕо эрэ биһиги харахпытыгар быраҕыллара элбээтэ. Дьылҕа-хаан диэн баар ээ. Ону хайдах да тумнар, куота көтөр кыах кимиэхэ да суох. Уол, чуолкай, интэриэһиргиир. Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат диэн итини этэн эрдэхтэрэ.” Эмискэ иннигэр сытар сотовай телефона тырылаабытыгар көрбүтэ, ийэтин нүөмэрэ тахсан кэллэ. — Алуо…- кыыс телефонун илиитигэр ылла. — Найыына, хайа, үлэлээн бүттүҥ дуо? – ийэтин саҥата аттыгар баардыы чаҕаарда. — Сибилигин аҕай кэллим. Туох сонун? — Аҕаҥ үлэтиттэн кэлэ илик. Ыарахан эппэрээссийэлээх. Хойутуу бүтэбин диэбитэ. Тугу астанан аһаары олороҕун? — Аата, ийээ, кыра оҕоҕо дылы ыйыттаххын. Аһаан сырыттаҕым дии. Маарын күнүс Ниналаахха аһаабытым. Ийэтэ наһаа үчүгэй эттээх миин буһарбыт этэ. Онон олох нүөл олоробун. — Ээ, чэ, бэрт. Аҕаҥ били уолу понедельникка көрдөрө кэлиэ этэ диэбитэ. Рентгеҥҥэ түһэриэхпит, консультациялаһыахпыт, медицинскэй консилиум оҥоруохпут диэбитэ. — Аҕам дуо? Сөп. Мин бэйэм барсан эмиэ рентген түмүгүн көрүөм этэ. — Сөп, этиэҕим. Тугуй, ити уолга тоҕо наһаа кыһанныҥ? – ийэтэ токоолоһор. — Эс, ыарыһаҕым буоллаҕа. Оскуола оҕото. — Ээ,- ийэтэ күлэр саҥата иһиллэр.- Эн аҕаҥ миигиттэн оруобуна биэс сыл балыс да, кимнээҕэр өйдөһөн отутус сылбытын олоробут. — Чэ, бүттүбүт, ийээ. Эмиэ үөннүрэн эрэр. Мин сөбүлүүр аспын мантыны уонна фаршированнай собону буһараар эрэ,- диэн кыыс атаахтаабыт куолаһынан саҥарар. Сотовай телефонун саба тутарын кытта, өрө тырылыы түһэр. — Найыына, түргэнник кэл. Киинэҕэ билиэт ыллым. Саҕаланара чугаһаата,- дьүөгэтин Нина куолаһа өрө умайыктана түстэ.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:44

Эрэл санаа 7ч.

Коля төһө да иһигэр сөбүлээбэтэр, хайыай, Наина Николаевналыын куоракка медцентрга баран иһэр. Онно хирург, кыыс аҕата, Николай Иванович приемҥа күнүс 12 чааска ыҥырбыт. Дьиҥинэн барсыа суохтаах этэ да, баҕар, дьолго, атахтанан хаалыа, оччоҕо тэҥнээхтэрин кытта тэҥҥэ сүүрүө-көтүө этэ буоллаҕа. Уонна төрөппүттэрин тылларын быһа гыммакка бырааһынаан барсан истэҕэ. Өрүһү туораан, Кангаласс сыырын өрө сүүрэн тахсаат, суоппар Клим уол эргиллэн ким ханна түһэрин токоолосто. — Биһиги медицина киинигэр тиийэбит,- Найыына Николаевна чуолкайдык хардарда. — Сөп, — суоппар саҥата иһилиннэ. Өр-өтөр буолбатылар, чаҕылхай күөх өҥнөөх профилииһинэн бүрүллүбүт элбэх этээстээх дьиэлэр кэчигирэһэн турар медицина киинин оройуонугар тохтоотулар. Коля хотоойутук туттубакка умса туттан бырааһын батыһарга тиийдэ. Уһун, көнөтүк кэдэччи туттубут кыыс сүрдээх дьулурҕатык сиртэн-буортан тэйбит курдук кынталдьыйа туттан хаамарын, кистии-саба сонургуу көрө истэ. “Кылаабынай хирург Александров Н.И.” диэн табличка сыһыарыллыбыт кэбиниэт аанын тоҥсуйа түһээт киирбиттэригэр ис киирбэх көрүҥнээх, маҥан, бэрт төрөлкөй киһи үөрэ көрүстэ. — Оо, хайы-үйэ кэлэ оҕустугут дуо? – Николай Иванович илиитин Коляҕа биэрдэ. – Хайа, Коля, кэмчиэрийбэккэ олорунан кэбис. Найыына, медицинскэй карточкаҥ баар ини. — Баар, — Найыына бэрт эрэллээхтик туттан карточканы ылан бырааска биэрдэ. Аҕалаах кыыс тас көрүҥнэринэн маарыҥнаһалларын таһынан бэйэ-бэйэлэригэр сүрдээх болҕомтолоохтук, истиҥник сыһыаннаһалларын уол бэлиэтии көрдө. — Хайа, оччотооҕу бырааскыт олох толорботох эбит. Бу Найыына эн буочарыҥ, — Николай Иванович сөбүлээбэтэх куолаһынан саҥарарын быыһыгар уол атаҕын илиитин иминэн туппаҕалаан көрдө.- Билигин рентгеҥҥэ барыаххыт. Коля, кырдьыгынан эт эрэ. Атаҕыҥ тостубута оспут, дьиҥинэн эйиэхэ хаамаргар мэһэйдээбэт. Ону хаттаан тоһуттаран баран, саҥалыы уҥуоххун туттараргыттан куттаммаккын дуо? – Николай Иванович уолу болҕомтолоохтук көрдө. — Суох, куттаммаппын. Мин оҕо эрдэхпиттэн тэҥнээхтэрбин кытта сүүрэн-көтөн тэҥҥэ сылдьыахпын баҕарабын. Миигин сыл ахсын улууска комиссияҕа ыҥыран инбэлиит оҥоро сатыыллар. Инбэлиит буолан дьыаланы быһаарбаккын,- Коля кыыһырбыт куолаһынан саҥарарыгар, бэл, куолаһа титирэстээн ылла. — Сөп. Коля, иһит. Чугастыы Москваҕа баран да оҥотторуоххун сөп. Биһиги мантан кэпсэтэн, докумуоҥҥун барытын толорон, плановайга киллэрэ сатыахпыт. Ол эрээри, платнайга да түбэһиэххин сөп. Ыарахан буолуо. Оччоҕо хайыыгын?- хирург уолу үтэн-анньан көрөр. — Сөп. Төрөппүттэрим сөбүлэһэллэр,- Коля эрэллээхтик хардарар. — Аҕаа, коммерческайы дьоно уйунуохтара суоҕа. Сүөһү иитэллэр. Ону тутуннахтарына эрэ төлөһөр кыахтаахтар, — Найыына уол төрөппүттэрин балаһыанньатын кэпсиирин сөбүлээбэтин биллэрэн, Коля көхсүн этиппэхтээтэ. — Сөп. Өйдөөтүм. Соруйан ыйыппытым. Эн сөптөөх эппиэти биэрдиҥ. Чэ, рентгеҥҥэ барыҥ, — Николай Иванович дьоһуннаахтык туттан, кириэһилэтигэр тиэрэ түһэн олордо. Күнү быһа Коля Найыына Николаевнаны батыһа сырытта. Рентгеҥҥэ атаҕын араастаан эргитэ сылдьан уһуллулар, көрдүлэр-иһиттилэр. Үлэ чааһа бүтэ илигинэ, түмүктэрин ылан, Найыына Николаевнаҕа туттардылар. — Сарсын кэпсэтиэхпит. Дьиэҕэ баран сынньаныҥ, — Николай Иванович судургутук хоруйдаата. Найыына Николаевна үгүс кэпсэтиитэ суох: «Биһиэхэ бараҕын»,- диэбитигэр уол иһигэр сөбүлээбэтэр да, ханна барыай, барсарыгар тиийдэ. Табаарыһа Игорь: “Эдьиийим аахха тиийээр” диэн аадырыһын, телефоннарын биэрбит кумааҕытын кууркатын сиэбигэр чугас илдьэ сылдьыбытын саҥата суох бигээн көрдө. Николай Иванович дьиэтигэр олох атын эбит. Дьоһумсуйа туттубута ханна да суох. Быһыччы көрбүт хараҕа, бэл, кэҥээбиккэ дылы буолбут. Чөҥөрүйбүт хара хараҕа мичээрдии сылдьар. Кыыһын кыра оҕо курдук төбөтүттэн имэрийэ, сыллыы сылдьар идэлээх эбит. Ийэлэрэ, арылыччы көрбүт киэҥ харахтаах кыраһыабай дьахтар, остуол хотойорунан ас бөҕөнү астаабыт. Коля фаршированнай собону ордук сөбүлээн сиэтэ. Кини дьиэлээхтэр эппэрээссийэ туһунан тугу даҕаны эппэтэллэр да, бэйэлэригэр эрэллээх дьиэ кэргэнтэн эрэл кыыма саҕылларын курдук сананна. Сарсыарда бэркэ чэпчээн уһугунна. Санаатыгар, атаҕа түүнү быһа дьырылаан ыалдьар буоллаҕына, ыалдьыбата даҕаны. Сарсыарда Елена Георгиевна минньигэс, тотоойу аһын аһаат, үһүөн Николай Иванович хара дьүһүннээх “Тойота-200” джип Land Cruiser иномаркатыгар олорон медицинэ киинин диэки сыыйылыннардылар. Халлааҥҥа харбаһар үрдүк дьиэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаспыттыы, элэҥнэһэн ааһалларын, куораппыт ханнык да соҕуруу куораттартан итэҕэһэ суох кэрэ көрүҥнээхтэрин Коля астына көрө олордо. Кэлин куорат олус да тупсубут. Эчи, массыыната, маҕаһыына элбэҕин диэн санаталаан ылла. Массыына түннүгүнэн уулуссаны көрө олорор Коляны Наина сотору-сотору хараҕын быраҕан көрөн ыла олордо. Табыллан, атаҕа эппэрээссийэлэнэрэ буоллар, төһө эрэ дьоллонор, табаарыстарын кытта хонууга, алааска төһө эрэ сүүрэн элээрэр, спортсаалаҕа баскетболлаан, волейболлаан имитэр, илии, атах оонньууларыгар хайдах курдук бырдааттаныа этэй? Аҕата бэйэтэ эппэрээссийэлээри гынар быһыылаах. Тоҕо эрэ саҥарбат, бэҕэһээ ийэтэ оннук быктаран ылбыта. Билбэтим, дьэ. Сиппит киһи оспут атаҕын хаттаан тоһутан саҥалыы көннөрөр ыарахан буолуо. Бүгүн быһаарылыннын, быһаарыллыбатын киэһээ бөһүөлэкпэр барбыт киһи. Бүтүн бөһүөлэги сиэстэрэҕэ хаалларбат буоллаҕым. Араас барыта буолуон сөп, дьон ыалдьан хааллаҕына, Нина хайдах барытын көрүөй? Бырааспыт, сылтах булан, куоракка уоллуун баран хаалла диэхтэрэ. Дьон айаҕын саба туппаккын. Туох баҕарар диэхтэрэ. Бэл, ийэм араас киһи үөйбэтэх боппуруостарын биэрэн, киһини ууга-уокка түһэрэр. Бэҕэһээ манты оҥоро сылдьан: “Коля кырабын дэммэт, эйигин алдьархай үчүгэйдик көрөр, сөбүлүүр дуу, хайдах дуу?”- диэтэҕэ үһү. Чэ, бээ, ону-маны хаалар суолу санаамыахха. Хата, таксист Федяҕа эрийиэххэ. Киирбит буолуохтаах. Дьиэбиттэн барар инибин. Аһаан, ийэм аһыттан ылан барыам этэ. Аҕата кэннин хайыһан эргиллэн көрбүтүн бэлиэтии көрдө. — Аҕаа, тугуй? Тугу этээри гынныҥ? — Ээ, суох. Консилиумҥа сылдьан баран, тута барбат инигин? Мин эйигин ассистент оҥостоору гынабын. Аркадийым уоппускаҕа сылдьар. — Ээ, суох. Аҕаа, хайдах буоллуҥ? Кэбис. Олох чугаһаабаппын. Мин боростуой эппэрээссийэлэри оҥорбутум. Ыарахан эппэрээссийэҕэ сылдьыбаппын. Куттанабын. Аркадийтан атын үчүгэй хирург-быраас суох,- Наина илиитинэн сапсына түстэ.- Уонна Коляны билэрим бэрт, бэйэм ыарыһаҕым. Дьонноро да куттаналлар. Москваҕа тоҕо ыыппаккын? — Москваҕа да ыыттахха ыытыллар буоллаҕа. Ол эрээри, снимогыттан көрдөххө, киһи бэйэтэ да оҥоруон сөп курдук. Коля, хайыыгын, миигин эрэнэҕин дуо? – Николай Иванович уол диэки эйэргээбиттии көрөр. — Эрэнэн буоллаҕа, — Коля мүчүк гынар. — Уонна бөһүөлэкпин хайдах эмчитэ суох хаалларыахпыный? Бүгүн да барыахпын санаталыы олоробун. Кыыс «бөһүөлэкпин» диэбитин истэн, уол Наинаны өссө убаастыы көрдө. — Ассистенынан хааларга бирикээс таһааттарыахпыт. Аҕыйах кэмҥэ бырааһа суох хааллаттарыахпыт суоҕа. Уонна эн бэйэҥ ыарыһаҕыҥ. Ыарахан эппэрээссийэҕэ үөрэнэн иһиэҥ этэ. Бөһүөлэккэ үөрэммэккэ-сайдыбакка сыппат инигин? Коляны эппэрээссийэлээн атаҕын чөлүгэр түһэриэхпит. Мин эппэрээссийэлиэм, Наина ассистенныа, ийэбит сиэстэрэ эбээһинэһин толоруо. Үчүгэй команда буолбатах дуо? – Николай Иванович күлэн ылар. Иннигэр олорон иһэр Елена Георгиевна саҥарбат. Киниэхэ биллэр дьыала быһыылаах. Опыттаах, ааһан иһэр үлэтэ буоллаҕа. Медицина киинигэр начаас сыыйылыннаран тиийдилэр. Эбиэккэ диэри уол Елена Георгиевна эппиэтинэһигэр сылдьар буолла. Аҕатынаан тоһугуруу турбут Наинаны, Коля дьон көрбөтүнэн, сайыһан батыһа көрөн хаалла.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:44

Эрэл санаа 8ч.

Коля оронугар ону-маны эргитэ саныы сытта. Дьонноро теплицаларыгар хара сарсыардаттан тииһэллэр. Сыл ахсын оҕуруоттарын аччатыах буолаллар да, хата, саас буолуо эрэ кэрэх, эбии элбэтэн иһэллэр. Түөрт улахан теплицалаахтар: оҕурсуну, помидору хото олордоллор. Билигин кыратык таалалыы түһэн баран, хортуоппуйун салгыы олордуо этэ. Кини эбээһинэһэ хортуоппуй олордуута. Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаабыта да, бүтэрэ илик. Сарсын бүтэрэр ини. Төрөппүттэрэ бириинчиктэрэ сүрдээх. Хортуоппуй чааскытыгар хайаан да биир ытыс мас күлүн куттаран тэйэллэр. Хайыаҕай, күл кутар буоллаҕа. Ол иннинэ хортуоппуй сирин оҥоттороллор. Иккитэ тиэрдэрэллэр, онтон аны өрүс кумаҕын, хара буор куттаран баран биирдэ фрезалыыллар. Ол да кэнниттэн хортуоппуйу мээнэ олордон барбаккын. Аҕата анаан оҥорбут кирээдэ мээрэйдиир маһынан тардан, тэҥнээн баран биирдэ олордоҕун. Маарын аҕата: «Көхсүгүн наһаа сотору-сотору көннөрөҕүн», — диэн сэмэлээн эрэрэ. Ааспыт саас консилиум буолбут күнүгэр Найыына Николаевналыын иккиэн төннүбүттэрэ. Москвалар бэйэҕит эппэрээссийэлиир кыахтааххыт диэбит этилэр. Онон БКЭ эксээмэннэрин кэннилэриттэн эппэрээссийэлииргэ сүбэлэспиттэрэ. Бэс ыйын ортотугар, эксээмэннэр кэннилэриттэн, тута куоракка балыыһаҕа киириэхтээх. Онно уонча күн бэлэмнээн баран оҥоруохтаахтар. Наина эмиэ барсыахтаах. Ол санаатыттан уол түөһүн толору үөрүү, долгуйуу сүүрээнэ ыга кууста. Билигин бэрибиэркэлэнэбин диэн ааттаан нэдиэлэҕэ хайаан да иккитэ баран кэлэр. Тугун бэрибиэркэлэтиэй? Бырааһа күлэ көрсөр. Суолтатыгар дабылыанньатын мээрэйдиир, сүрэҕин иһиллиир. “Бар, эн миэхэ мэһэйдиигин, дьон туох эрэ диэхтэрэ”,- диэн үүрэртэн ордубат. Онтон уол кыыһы көрбөтөҕүнэ, хайдах эрэ буолар, иннин-кэннин билбэт буолуор диэри чуҥкуйар, тэһийбэт, кыыс сырдык кыымынан сыдьаайар сырдык хараҕын көрүөн, толбоннурар саһархай суһуоҕун имэрийэн ылыан баҕарар да, ол киниэхэ кыаллыбат. Дьиҥинэн биир бөһүөлэккэ олороллор эрээри, кыыс киниэхэ күн халлаантан ырааҕын курдук ыраах. История учуутала Никита Алексеевич, сураҕа, кыыска иҥээҥниир, балыыһа дьиэтиттэн арахпат дииллэр. Кулуупка киинэҕэ, кэнсиэргэ бииргэ олороллор, анал олорор ыскамыайкалаахтар үһү. Чэ, буоллун. Ол эрээри, Коляҕа эмиэ эрэл кыыма баар. Кыыс кинини көрө түстэҕинэ, имэ кыыһа түһэр. “Куоракка хаһан барабыт? Мин эйиэхэ эрэ эппэрээссийэлэтиэхпин баҕарабын”,- диэтэҕинэ, «Эмиэ кавалер дии»,- диэн күлэн үрүҥ тиистэрэ кэчигирии түһэллэр. — Хортуоппуй олордооччу, туох ааттаах сыттыҥ? – аҕатын саҥата иһилиннэ. — Ээ, турдум, нуктаан ылбыппын. Сарсын бүтэрэр инибин. Эһиэнэ буолан баран сиргит наһаа киэҥ дии. — Оннук буолумуна. Ытыс саҕа сиргэ ыстараары гынаҕын дуо? Этэҥҥэ буоллаҕына, аны күһүн үөрэнэ бараргар бэйэҕэр үп буолуо этэ. Күлүҥ баар ини? — Баар бөҕө. Эн кыһыны быһа хаһааммыт күлүҥ хантан бүтүөй? – уол аҕатын элэктээн күлэр. Коля көмөлөһүннэрээри табаарыстарын телефонунан ыҥыран ылла. Бэйэбит да, хортуоппуйбут ыһыыта бүппэккэ, мөҕүллэ сылдьабыт диэтилэр да, ситэ отут мүнүүтэ буолбакка, “Кавасаки ниндзя” матаһыыкылларынан көтүтэн кэллилэр. — Бүгүн субуота. Киэһээ дискотекаҕа барбаккын дуо? Бэрт киһи балыыһаҕа бараары тураҕын дуо? Арааһа, Никита Алексеевич эйигиннээҕэр актыыбынай позициялаах быһыылаах. Күн ахсын кыыска иҥээҥнээн, уопсай дьиэҕэ бара турар. Кулуупка анал олорор миэстэлээхтэр дииллэр,- диэн уолу дэлби хаадьылаатылар. Уол төһө да сөбүлүү истибэтэр, кыһаллыбатах курдук туттан, тэҥҥэ күллэ-салла. Ол туран, уолаттара имнэнсибиттэригэр уулуссаны көрө түстэ. Никита Алексеевич матаһыыкылыгар Наина Николаевнаны олордон баран соҕуруу диэки көтүтэн эрэр эбит. — Ити ханна бардылар? Ньукуолуннуу бардылар дуу, хайа сах дуу? – уолаттар таайа сатыы турдулар. Коля киэһээ дискотекаҕа барбакка, ийэтин кытта “Великолепный век” киинэни көрдө. Ийэтэ бу турецкай киинэни хас сыл ахсын салгыбакка көрөр, төһө да ис хоһоонун билэ олордор, киинэ чаҕылхай кырааскатын, сүрүн геройдарын кыраһыабайдарын, таҥастара-саптара маанытын астына көрөр. Киинэ кэнниттэн Найыынаҕа тута эрийэргэ сананна. Балачча гудоктаан ыҥыран баран, бэрт ыраахтан кыыс куолаһа иһилиннэ. — Алуо, туох сонун? Бүгүн Ньукуолуну бэлиэтээтигит дуо?- уол быһаччы ыйытта. — Суох. Тоҕо итинник ыйыттыҥ?- Найыына куолаһа холку. — Онтон Никита Алексеевичтыын көтүтэн эрэр этигит дии… — Оо, хата булан ыйыттаххын. Ону мин тоҕо эйиэхэ дакылааттыахтаахпыный? – кыыс күлэр. – Никита Алексеевич эбэтэ ыалдьыбыт этэ. Онно бара сылдьыбытым. Эмээхсин мөлтөөбүт. — Ээ,- уол мух-мах буолан эппиэттиэн икки ардыгар телефона быстан хаалла. Кыыһырда дуу, телефонун ситэ кэпсэппэккэ ууран кэбистэ. Кыыска саҥалыы эрийиэх курдук туттан истэҕинэ, телефона күлүмнээн кэллэ. — Алуо, Коля, тоҕо дискотекаҕа кэлбэтиҥ? – кыыс саҥата чаҥкыныы түстэ. — Онно тоҕо барыахтаахпыный, тугу сүтэрбиппиний? – Коля хардата судургу. — Эн буолан баран итинтэн ордук эппиэттиэҥ дуо? Дискотека бүтэн эрэр. Халлаан хараҥарда. Миигин дьиэбэр матаһыыкылынан илт эрэ,- кыыс да хаалсыбат. — Матаһыыкыллаахтар элбэхтэр. Мин утуйдум,- уол телефонун арааран кэбистэ. Маняша… Алдьархайдаах сытыы кыыс. Баара-суоҕа ахсыс кылааска үөрэнэр эрээри, быйыл күһүҥҥүттэн киниттэн арахсыбат, элиэтээн аҕай биэрэр. Кини наадата бүппэт, туох баар кыһалҕатын уолунан быһаартараары гынар. Убайа Гриша күлэн эрэрэ: «Балтым, дьэ, сымала курдук сыстан баран, олох арахсыа суоҕа, эппэтэҕэ диэйэҕин. Эйигин сөбүлээбит үһү». Дьэ, кырдьык кыыс оҕото. Хап-харанан чоҕулуччу көрөн, иэдэһэ болтоллон, кытаран-наҕаран, үрдүкү кылаас кыргыттарыттан итэҕэһэ суох көрүҥнээх. “Иэдэһиҥ болтоллон, хаһан детсад саастан тахсан кыыс оҕолуу көрүҥнэнэҕин”,- диэн күлэн ытатааччы. Кыһыыта бэрт ээ, сылтах көһүннэр эрэ, киһини эккирэтэ сылдьар идэлээх. Табаарыһын балта буолбатаҕа буоллар, оннун булларбыта ырааппыт буолуо этэ. — Коля, бар, дьыбаантан. Хоскор ороҥҥун оҥостон сыт,- диэн ийэтин саҥатын истэн, уол аргыый туран, хоһугар сүөдэҥниир.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 02:44

Эрэл санаа 9ч.

Коля ситии-хотуу аттестатын илиитигэр тутан долгуйа үөрдэ. Бу күн сиригэр төрөөн, олох олорон орто үөрэхтэммитин туһунан докумуоннанан салгыы идэ ылар үөрэххэ барар бырааптаннаҕа. Аны бэйэтин бас билэр, кимтэн да тутулуга суох улахан киһи буоллаҕа. Бэҕэһээҥҥигэ диэри: «Ээ, эн оҕочоос. Оскуола оҕото баҕас чыыбырҕаама. Хата, ийэҥ суоратын сиэн баран, утуйбутуҥ ордук буолуо»,- дииллэрэ истэргэ кыһыылаах буолара. Улахан ыччат уолаттар тойомсуйан, тос курдук көрөллөрө тохтуура буолуо. Оннооҕор учууталым Никита Алексеевич, Найыынаттан быһыылаах, сөбүлээбэтэх курдук көрөр. Хата, история предметин талбытым буоллар, проваллатыа эбит. Уолаттарым курдук историк, юрист идэлэринэн иирбэтэҕим үчүгэй эбит. Оскуола аанын сабан тахсан баран, эбии чиҥэтэрдии, ааны көхсүнэн лигийэн биэрбититтэн сонньуйа санаата. — Чэ, бардыбыт, тоҕо оскуолаҕа аны хаһан да киириэм суоҕа диэбиттии, ыга саба тураҕын,- табаарыһа Гриша күлэр. – Өссө да кэлиэхпит турдаҕа. Чэ, кытаат, банкет бүттэ, аны үргүлдьү похуокка барыахпыт, күнү көрсүөхпүт. Иһиттэн ааны күүскэ анньыалаабыттарыгар түргэн үлүгэрдик кирилиэһи таҥнары сүүрэн түстүлэр. Коля Гришалыын хаадьылаһан кэккэлэһэ хаамсан иһэн, дьиэтин диэки туораата. Калитка таһыгар Маняша турарын соһуйа көрдө. — Хайа, Маняша, кими кэтэһэн манна турдуҥ? — Эйигин күүтэбин. Походка ким баҕарар барсар бырааптаах буолбат дуо?- кыыс кырааскаламмыт кыламаннаах хараҕынан араастаан тэрбэччи көрдө. — Ол эйигин ким ыҥырбытай?- Коля ыйытарын быыһыгар кыра кыыс уоһун кып-кыһыл гына кырааскаламмыта көрөргө сүөргү баҕайы дии санаан ылла. — Эн барбаккын дуо? Үрүҥ халааттаах аанньалгын күүтэ тураҕын дуо, күүтэн эрэйдэнимэ. Мин илэ харахпынан көрбүтүм, Никита Алексеевичтыын матаһыыкылга олорон барбыттара, — уол кыыс саҥатын иһиллии барбакка, калиткатын күүскэ тэлэччи аһан олбуоругар киирдэ. Ийэлээх аҕата утары көрсөн олорон чэйдии олороллорун соһуйа көрдө. — Хайа, тоҕо утуйбакка түүннэри олордугут? — Ээ, бэйэбит. Ынахтарбыт хойутаан кэллилэр. Түптэ бөҕөтө оҥордубут да, бырдахха да кыһаммат буолбуттар. Эн похуокка бараҕын дуо? – ийэтэ ыйытардыы көрдө. — Барбат инибин. Сүрэҕэлдьиибин даҕаны,- дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн олордо. — Дьэ, бэйэҥ билэн эрдэҕиҥ. Иһиттиҥ дуо, Маняша обургу иһитиннэрэ оҕуста ини? Бүгүн киэһэни быһа калитка аанын кэтээн, туран аҕай биэрдэ. Дьэ, Сэмэнэптэргэ сытыы кыыс төрөөбүт. Ийэлээх-аҕата сытыары-сымнаҕас, күөх оту тосту үктээбэт, сытар ынаҕы туруорбат дьон. — Тугу этиэхтээх этэй? — Найыына Николаевна аҕата эмискэ охтубут үһү. Инфарктаабыт дииллэр. Никита Алексеевич Суоттуга матаһыыкылынан катерга киллэрбит. Антах биэрэккэ дьоно тоһуйаллар үһү. — Дьэ, иэдээн. Бэйэтэ медик киһи хайдах ыалдьарын билээхтээбэккэ сылдьыбытай? Эмп-том баар сиригэр уонна эмчит киһи түргэнник этэҥҥэ буолар ини,- ийэтэ кэпсиирин быыһыгар уолун көрөн ылар. — Оо, оччоҕо эппэрээссийэбит? – Коля соһуйан, тута курус гына түһэр. Уоллара сибилигин ситии-хотуу аттестатын ылан үөрбүт-көппүт бэйэтэ, күлүм аллайбыта ханна да суох буолбутун ийэтэ бэлиэтии көрдөр да, хайыай. — Солбуллубат киһи диэн суох. Оҥоруохтара буоллаҕа. Николай Иванович ыалдьыбыта кырдьык куһаҕан,- аҕалара туран телевизорын араарарын быыһыгар хомойбуттуу саҥарар. – Чэ, эмээхсин, утуйуохха. Чаас ыраатта. Сотору сарсыардааҥҥы ынахтарыҥ ыамыгар турар да кэмиҥ кэлиэ. — Ээ, кырдьык, утуйуоҕуҥ. Коля, онтон эн похуокка барбаккын дуо? — Суох ини. Маарын сарсыардаттан оскуола мероприятиетыттан мин да сөп буоллум. Утуйуом этэ, — уол хоһугар киирэр. Оронугар тиэрэ түһэн сытан Найыынаны бу баардыы хараҕар көрөн ылла. Найыына барахсан аҕата ыалдьыбытыттан төһө эрэ куттанна? Сарсын кэпсэтэн, тугун-ханныгын билсибит киһи. Николай Иванович ыалдьыбыта куһаҕан. Баар суох эрэнэр киһим. Хаарыан киһи. Билиитэ-көрүүтэ, дуоспуруннаахтык, ылыннарыылаахтык саҥарара, ыарыһаҕын бэйэтигэр тардан, эрэл санааны үөскэтэрэ, бэл, тас көстүүлүүн үчүгэйэ, улахана, сахаҕа чахчы астык киһи. Үлэһитин, кыһамньылааҕын, дьон ытыктабылын ыларын туһунан этэ да барыллыбат. Хайдах эмэ гынан үтүөрэрэ буоллар. Экзаменнарбын, хата, бэркэ туттардым. Найыына үөрдэ быһыылаах. «Олох аахпаккын? Хайдах туттараҕын?» — диир этэ. Докумуоннарбын ситиһэн, икки хас үөрэххэ биэрбит киһи. Медкэллиэскэ киириэн баҕарарын ийэтэ истэн баран, кини саҕа үөрбүт киһи суоҕа. Медбрат буолуллуо. “Тоҕо медбрат буоллуҥ? Тута мединститукка киириэххин?” – Намыына сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. “Иккиэн быраас буоллахпытына, тыа сиригэр хайдах биир балыыһаҕа үлэлиэхпитий? Эн быраастыаҥ, онтон мин сиэстэрэлиэм. Нинаны кэргэн таһааран биир эмэ участковай балыыһаҕа ыытыллыа. Уонна мин үрдүк үөрэхтээх эмчит буолуохпун баҕарбаппын. Оскуолаҕа да бэрт эрэйинэн үөрэммитим. Сөбүн уон биир сыл учууталлар сирэйдэрин-харахтарын манаан үөрэммитим сөп ”, — диэн кыргыттары күллэртээбитэ. Кырдьык, үрдүк үөрэх киниэхэ наадата суох. Үөрэнэрим – син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ. Убайдара иккиэн үрдүк үөрэхтээх ааттаахтар да, харчылаах, булар-талар, дьаһайар үлэлэрэ суох. Барыта үрдүкү салалтаттан, дьонтон тутулуктаахтар. Көстүүмнээхтэр, хаалтыстаахтар эрэ. Ийэбит дьэ, ону астынар. Коля ону-маны эргитэ саныы сытан утуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Сарсыарда ийэтэ күөрчэҕин ытыйан, биһилэҕин тыаһа таһыргыырыттан уһуктан кэллэ. Ийэтэ барахсан. Ынах сүөһү иитэр буолан, киһини өйдүүр буолуоҕуттан, үрүҥ аһынан оҕолорун тутахсыппатаҕа. Кинилэргэ куруутун күөрчэх, суорат, быыппах баар буолан, табаарыс уолаттара сайын буһурук куйааска “быыппах” иһээри ааннарын саппаттара. Ийэлэрэ, хата, дэлэй-холой илиилээх буолан, үрүҥ аһа бүппэтэ, олбуор иһинээҕи оҕолор бары тииһинэллэр. “Тетя Өкүлүүнэ наһаа минньигэс быыппахтаах, суоратын хойуутун этэ да барыллыбат”,- диэччилэр. Дьикти ээ, таһынааҕы ыаллара, дэлэҕэ «ыанньыксыттар» диэн ааттаныахтара дуо, кини өйдүүрүн тухары ынах бөҕөнү ыан үрүҥ ас үрүлэтэллэр, государствоҕа сыллата хас эмэ туоннанан үүт туттараллар эрээри, дьиэнэн үрүҥ ас диэни билбэттэр. Телефонун ылан батсааптары көрүөн баҕарда эрээри, тоҕо эрэ санаата кэлбэтэ. Маняшаттан атын ким да суруйбатаҕа буолуо, киһини таһынан олус сытыы кыыс. Күнү быһа батсааптаан сордуур. Убайа Гриша бэйэтэ да балтыттан саллар. «Бэйэҕиттэн биэс сыл аҕа дьахтардааҕар мин ордук буоллаҕым», — диэн суруйар буоллаҕа. Бээ, туруохха, ийэм күөрчэҕин сиэххэ, туох сытын-сымарын таһаарда? Алаадьы буһарбыт быһыылаах. — Ийээ, тугу буһардыҥ? Сыт-сымар бөҕөнү таһаарбыккын, — уол, ийэтэ оһоххо арыылаах алаадьы, сыалаах эт айах тутарын соһуйа көрдө.- Бүгүн туох бырааһынньыга буолла, эбэтэр ким ханна айаннаата? — Суох, ким да ханна да барбата. Бырааһынньык да буолбатах. Бэйэм оһохпун аһатабын. — Тоҕо? – уол килиэби күөрчэххэ булкуйан мотуйарын быыһыгар туоһулаһарын тохтоппот. — Дьай дьалбарыйдын, Николай Иванович туһугар Ыарыы сыстыбатын, Аал уотум иччитин Доруобуйата тубустун, Амтаннаах аһынан Айыыһыта арчылаатын, Аһаттаҕым буоллун! Иэйэхситэ эҥэрдэстин диэн -Оо, дьэ, ийээ. Араас буолаҕын ээ. Ити чахчы итэҕэйэҕин дуо? Билиҥҥи кэмҥэ эмп-том күүстээх, үчүгэй буолуоҕа. Кыыһа Найыына, кэргэнэ Елена эмтээн начаас атаҕар туруоруохтара. Онно эн алгыһын наадата суох. — Буоллун. Ол эрээри, айыыттан-таҥараттан көрдөһө сырыттахха, санааҕа астык. Үчүгэй киһиэхэ көрдөспүт туох куһаҕаннаах буолуой? Чэ, хата, үчүгэйдик тото-хана аһаан баран, докумуоҥҥун барытын ситэн, сарсын улуус киинигэр баран, медкөрүүгүтүн ситиһиэ этигит. Гриша аҕата түөрт оҕону илдьиэх буолбута. Онон бэлэмнэн. Быыскар-арыккар Найыына Николаевнаҕа эрий. — Ол мин эрийэрбэр кыһанара буолуо дуо? – Коля дьээбэлэнэн күлэр. _ Чэ, үөннүрбэккэ тур. Аһыы охсон оскуолаҕар бар. — Сөп, билигин, — телефонун ылан, олус билэр нүөмэрдэрин күүскэ баттаталыыр. Аҕыйахта гудоктуурун кытта Найыына саҥата бу баардыы иһиллибитигэр соһуйан ходьох гынна, итии сүүрээн сирэйигэр саба биэрдэ. — Алуо, Найыына, аҕаҥ хайдаҕый? – диэн аргыый бөтүгүрээтэ. — Этэҥҥэ. Эн аттестаккын ыллыҥ дуо? – кыыс саҥата олох бу баардыы иһиллэр. Бэл, тыынара кытта биллэргэ дылы. — Ылан. Эппэрээсийэбит кэмигэр буолара дуу? – уол саарбахтаабыттыы ыйытар. — Куттаныма. Эппэрээссийэ буолуоҕа. Аҕам консультант баҕас буолабын диир. Аркадий оҥорорго сөбүлэспитэ. Киниттэн атын күүстээх хирург-быраас республикаҕа суох, күнэ көспөт. Хаһан үөрэххэ докумуоҥҥун туттара киирэҕин? Кытаат, түргэнник туттара оҕус. Күүтэбит, — диэт Найыына телефонун саба тутан кэбистэ. Уол сүрэҕэ үөрүүнэн туолла. Барыта быһаарыллыбыт. «Күүтэбит»,- диэтэ. Ити аата күүтэр буоллаҕа. Билигин ийэбэр этиэм. Кылаабынайа, Николай Иванович үчүгэй, этэҥҥэ буолбут, эппэрээссийэ көспөт… Атаҕым табылыннар, төһө эрэ, тэҥнээхтэрбин кытта тэҥҥэ сүүрүөм-көтүөм, оонньуом, күрэхтэһиэм этэй диэн санаатыттан Коля манньыйан ылла. Күүһүгэр күүс, санаатыгар санаа, сүрэҕэр эрэл эбиллэргэ дылы гынна.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 14:45

СЭБИРДЭХ (КЭПСЭЭН)

17:00 08.10.2022

Киистэтэ суйданан хаалбыт хатыҥ лабаатыгар саһарбыт сэбирдэх соҕотоҕун тэлибириир. Күһүҥ­ҥү хаҕыс тыал кинини араастаан мускуйар, ыты­йар да, сэбирдэхчээн иннин биэрбэт. Үүнэн тахсыбыт лабаатыттан арахсыан баҕарбаттыы туох баар күүһүнэн тутуһан, өрө ырычаахтаһар… Күүстээх тыал охсуута сэбирдэҕи туура тардан салгыҥҥа элитэр. Сэниэтэ эстибит сэбирдэх ба­рахсан, тирэҕин сүтэрбит киһилии салгыҥҥа ыйа­нан, байаатаҥнаан ылар уонна сүүрүгэ оргуйа турар үрэх уутугар умса баран түһэр. Тымныы ууга тимирэ-тимирэ күөрэйэн баран, синим биир диэбиттии сүүрүк хоту уста турар… Сүүрүк арыый намтаабыт сиригэр тиийэн, бэйэтин курдук туура тардыллыбыт сэбирдэхтиин булсан, өр сүтэр­сэ сылдьыбыт дьоннуу ыгыта сыстыһан, биир сиргэ өрө холоруктаатылар, эрчимнээх сүүрүк­кэ оҕустаран тэҥҥэ устан ыллылар, онтон эмис­кэ бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсэн, тус-туһунан туора- маары уһуннулар… Айылҕа да, киһи да олоҕо биир: эрийэр, мус­куйар, күлүм гынар уонна бүтэр… Мин уулаах биэдэрэбин ылан сыыры өрө да­байабын. Күһүҥҥү бороҥ халаан бүдүгүрэн ки­һи эрэ санаатын баттыах айылаах. Дойдубар кэл­битим нэдиэлэ буолла да, күн-дьыл көнүөх быһыыта көстүбэт… Аҕам барахсан ыалдьан уһу­гулаан сытар. Ону ыарыылаан, аттыгар олорон, оҕо буолан атахпар турбут ытык иэспин толорбута буолабын. Ааны аргыый аһан дьиэҕэ киирбитим, эдьии­йим үлэтигэр бараары тиргиллэ сылдьар. – Айуу-айа! Ити оҕонньор туох эрэ туос биһигин көрдөтөн киһини үлэтигэр хойутатар буолла… Хотуммуттан эмиэ кынчарыллар буол­лум… Уһугуннаҕына хааһытын сылытан сиэтээр, эбиэккэ тугу эмит астанан аһаар. Мин кэлбэтим буолуо. Килиэби бэйэм ылыам. Оҕолор ыкса киэһэ кэлиэхтэрэ, күрэхтэһиилээхпит диэбиттэрэ. Арба, холодильникка суорат уурдум, иһээр…-диэн дьаһайбытын кубулуппакка, таҥнан-саптан үлэтигэр аттанна. Мин хоско киирэн аҕам тыынарын иһиллээ­мээхтээн турдум… Онтон куукунаҕа тахсан чэй кутуннум. Чэйбин сыпсырыйа-сыпсырыйа ос­туол­га ууруллубут, хатан хапсыйан хаалбыт туос би­һиги одууластым. Кимиэнэ эбитэ буолла?! Аҕам бэйэтин киэнэ дуу… Биһиги итинник би­һиккэ сыппатах буолуохтаахпыт. Аргыый бэйэм диэки тардан иһин өҥөйөн көрбүтүм, ойоҕоһун диэкинэн химическэй харандааһынан тугу эрэ суруйбуттар. Көстөр-көстүбэт суругу кыҥастаһан аахпытым: “Савченко Оленька Анатольевна“. Арыый аллараа диэки “Аришенька, любимая, спа­­сибо за дочь! Толя. 28.07.1956г.“ Аата, отой билбэт дьоммут ааттара… Оҕонньор маны тоҕо көрдөтөн түбүгүрбүтэ буолла?! Хайдах эрэ сү­рэҕим ытырбахтаата… – Арыысаа, – сэниэтэ суох аҕам куолаһа ыҥы­рарын истэн, хааһы, чэй тутуурдаах хоско киир­дим. Аҕам дьүдьэйэн, иэдэстэрин этэ уолан, хоҥо­руутун уҥуоҕа кырыыланан, урут уола хаан бэйэтэ кууран-хатан, аччаан сыттыгар чөкө баҕайытык чөм түһэн сытаахтыыр. Аҕыйах ньуоска ууну эрэ үрдүнэн хойуу хаа­һыны сиэбитэ буолла уонна аккаастанан ба­һын быһа илгиһиннэ. Чэйин син сэниэлээхтик өр бырылаччы истэ. – Арыысаа, айанныырым чугаһаата быһыы­лаах. Бөлүүн ылар дьонум кэллилэр… Эдьиийдэриҥ үлэлэригэр ойоохтоотулар дуу? Итигирдиктэр… Үлэлээри эрэ төрөөбүт курдуктар, өрүү сололоро суох аатырар. Киһи хаһан эмит тохтоон иннин-кэннин ыйдаҥардан көрүөхтээх… Чэ, ол гынан баран бэрт! Үлэлиир-хамсыыр киһи олох олорор буоллаҕа… Мин да олох олорботох оҕонньор буолбатахпын. Тугум барыта толору этэ. Аны кэлэн кэмсиннэхпиний?! – аҕам хараҕыттан уу-хаар баста, улаҕа хайыһан саҥата суох сыппахтаата. Нухарыйда дуу диэн туран бараары гынан ис­тэхпинэ, уҥуох-тирии буолбут тарбахтарынан эмискэ илиибиттэн харбаата, бэйэтин диэки тарта. – Барыма! Олор! Үйэм тухары кимиэхэ да эппэккэ, сүгэһэр гына сылдьыбыт аньыыбын-харабын ыраастанар кэм кэллэ. Эн иһит! Са­ҥарыма! Биэс уон алта сыллаахха отуччалаах эр киһи экспедицияҕа таһаҕас таһааччынан сылдьы­бы­тым. Холкуостаахтары хомуйан атынан экпе­ди­циялар таһаҕастарын тастараллара. Уонча буо­лан ыйбыт сирдэригэр таһаҕастарын тиэрдэн баран төн­нөн испиппит. Мин табаарыстарбыттан арах­сан Суордаах үрэҕэр туораабытым. Быр­дах­тан куотан киирбит биир эмит тайаҕы бул­туйдарбын диэн… Дьоммор туох эмэ харалаах тиийээри. Олому кэстэрэн туораан иһэн, соһуйан аппыттан суулла сыспытым. Сыыһа иһиттим диэн, кулгаахпын хаста-хаста иһиллээбитим. Биэрэги кыйа үүммүт иирэ талахтар быыстарыгар эһээхэй оҕо ытыыра. Мин куттанан этим саласпыта. Бу ким да сылдьыбат үрэх баһа дойдуга туох оҕото кэ­лэн хааланна­ҕай?! – диэн иэним кэдэҥнээбитэ. Быһыыта абаа­һы муокастыыр диэн толкуйдаабытым. Аппын төт­төрү салайан, сыыры өрө сүүрдэн тахсан ба­ран, туох эрэ тардарын курдук тохтоон эмиэ иһиллээбитим. Сэниэтэ эстибит оҕо бөтө-бөтө ытыы­ра, уу ньуурунан чуолкайдык иһиллэрэ. Мин санаам буолбатаҕа: төттөрү-таары мэскэйдэнэн баран, чуҥнаан көрөргө быһаарыммытым. Туох баар билэр-билбэт айыыларбыттан көрдөһөн ботугуруу-ботугуруу, саабын иннибэр бэлэм ту­тан үрэҕи ик­кистээн туораабытым. Атым ул­гум­нук иннин диэки дьүккүйэриттэн хайдах эрэ эрдийбитим. Дьөһөгөй оҕото барахсан абааһы баарын сэрэйбитэ буоллар илгистэ түһүөхтээҕэ. Сэрэнэн талахтары сэгэтэн иһир­дьэ киирбитим. Уу сол түһэ илигэ. Этим тарда-тарда бытааннык хаамтаран тыас баар сиригэр чугаһаабытым. Та­лахтарга иҥнэн хаалбыт туос би­һиккэ таҥаска ыга сууламмыт соторутааҕыта тө­рөөбүт оҕо ытаан бөтүөхтүү сытаахтыыра. Мин көр­бүппүн итэ­ҕэй­бэккэ харахпын ньуххаммытым. Оҕо буоларын билэн, соһуйан-уолуйан таҥастыын ба­ҕастыын ууга «бар» гына түһэн, биһиги харбаан ылбытым. Кумаарга сиэтэн, аччыктаан, сэниэтэ эс­тибит оҕо муҥнаах сыккырыыр тыына эрэ хаалбыт этэ. Тугу гыныахпын билбэккэ, оҕону көтөхпүтүнэн биэрэги былдьаспытым. Тахсан былааппын ууга сайҕаабыта буолаат, сиигирдэн оҕо айаҕар сим­питим. Барахсан сирэрэ-талара кэлиэ дуо, эмэн собурҕаппытынан барбыта. Хаста да оннук гы­нан утаҕын ханнарбыта буолбутум. Үрүсээгим түгэҕиттэн оҕолорбор кэһии гыныам диэн экс­педициялартан ылбыт галет диэн астарын ылан ууга хааһы курдук илитэн, былаат уһугар бобо баайан, эмсэх оҥорон, оҕо айаҕын бүөлээбитим. Бэйэм чугаһынан дьон баар сибикитэ биллээрэй диэн саабын ииттэн үөһэ ытыалыы-ытыалыы төттөрү-таары сүүрбүтүм да, ыт охсор киһи суоҕа. Хайыыр да кыах суох буолан, дьиэбин түргэнник буларга быһаарыммытым. Эрэй-кыһалҕа бөҕөнү көрөн, суукканы быһа айаннаан түүн дьиэбэр кэлбитим. Бөһүөлэк утуйа сытара, миэнэ-миэнэ курдук дьиэм таһыттан баттатыылааҕа. Кэргэним оһоҕостоох хаалбыта, онон оҕолорун эбээлээх эһэлэригэр хаалларан балыыһалаабыта буолуо диэн, быһа балыыһаҕа тэптэрэн тиийтим. Ону биэлсэр Дьэлиэнэ өрө хабытайдана көрсүбүтэ. Эл­бэх өлүүнү-сүтүүнү көрбүт, сэриини ааспыт эмээхсин буолан оҕоҕо улаханнык соһуйбата­ҕа. Айдаана суох ылан сууйан-сотон, көрөн-истэн бар­­быта. Мөҕөрүн-этэрин быыһыгар, кэргэним хара төрүөр диэри бэйэтин харыстаммакка пиэр­мэҕэ үлэлээн өлбүт оҕо төрөөбүтүн, бэйэтэ хаана баран анараа дойдуга аттана сыспытын, туруга билигин да мөлтөҕүн туһунан миигин сирэй-харах анньардыы бөтүгүрээбитэ. Сарсыарда күн тахсыыта, мин көрүдүөргэ уту­йар-утуйбат икки ардынан аҥаарыйа олор­дохпуна ыҥыран ылбыта. – Нохоо, доп-доруобай кыыс оҕо! Аһаттахха-сиэттэххэ бэттэх кэлииһи. Биир оҕону был­дьаа­бытын билинэн Дьылҕа Хаан атын оҕону биэрдэҕэ! Туох да айдаана суох оҕо гын! Кэр­гэниҥ оҕолооҕун биллэҕинэ туруга тупсуо. Аҕы­йах хонуктааҕыта Томторго экспедициялар дьах­тардара төрөөн баран, кэргэнэ кэлэрин күүппэккэ ыксаан, бэйэтэ баран иһэн ууга былдьаммыт сурахтааҕа. Ол муҥнаах оҕото ини. Экспедиция­лар биир сиргэ турбат дьон, бардахтара. Ту­лаайаҕы ханна гыныахпытый? Кимиэхэ да тугу да кэпсээмэ да бүттэ! Мин Өрүүнэҥ төрөөбүтүн курдук оҥоруом, – диэн быһааран кэбиспитэ. Мин да утарылаһа сатаабатаҕым. Сылайбытым да бэрдэ, Өрүүнэбин да аһынарым бэрдэ. Ба­рах­саммар хара өлүөр диэри ол кыыспыт атынын билиммэтэҕим. Сэрэйээхтээбитэ эбитэ дуу, суоҕа дуу?! Барыларыттан бу кыыс тоҕо бөдөҥөй диэччи. Ону мин эһэм Нууччакаан Ньукулай кур­дук диэн куотунааччыбын. Дьиэбэр кэлэн, сууллан утуйан хаалбытым. Киэһэ уһуктан, туран, аһаан-сиэн, суунан-та­раа­нан баран, кыра миин оҕото тутуурдаах ба­лыыһаҕа тиийбитим. Өрүүнэм өйдөммүт этэ, булумньу оҕобутун эмиийдэтэ сытара. Кэргэним дьол­ломмут, сылаанньыйбыт сирэйин көрөн, мин Дьэлиэнэ этиитин ылынарга санаммытым, – аҕам кэпсии сытан сэниэтэ эстэн, долгуйан саҥата сү­тэ-сүтэ иһиллэр буолла. Куотан хаалыа диэбит кур­дук миигин ыга туппут илиитин арааран хараҕын уутун сотунна, миигин утары көрдө уонна: – Арыысаа, ол оҕо эн этиҥ! – диэтэ. Мин истибиппин итэҕэйбэккэ, туох да диэхпин билбэккэ, соһуйан, чыпчылыҥныы олордум. – Ити биһик иһигэр дьиҥнээх төрөппүттэриҥ аата баар буолуохтаах. Ийэҥ өлбүт буоллаҕына, аҕаҥ баара эбитэ дуу… Мин курдук бүдүгүрэ кыр­дьан, эмиэ киһи илиитигэр киирээхтээбитэ дуу… Төрөппүт аҕаҕын ыарыылыаҥ оннугар мин аттыбар олороохтоотоҕуҥ… – Аҕаа, туох диэн эттэххиний?! Иитэн-аһатан атахпар туруорбут киһи эн эрэ. Атын аҕам суох! Эн бааргын мин аҕам! – диэн кууһан, сүүһүттэн сыллаан ыллым, сыттыгын көннөрдүм. – Сылайдым, укуолбун биэр. Утуйа түһүөм этэ. Этиэхтээхпин барытын эттим, чэпчээбиккэ дылы буоллум. Аҕаҕын була сатаар, оччоҕуна мин атын дьон дьылҕатыгар орооспут аньыым-харам ыраастанаахтыыра дуу?! – аҕам улаҕа хайыһан чуумпуран хаалла. Мин олорбохтоот, куукунаҕа тахсан туос би­һиги сэрэнэн имэрийэн ылбытым. Биһик чахчы мин баарбын, ити барыта олоххо буолбута диэн итэҕэтэрдии ааспыт сыллар туоһулара буолан, кумуччу туттан сыппыта… Аҕам уһаахтаабатаҕа, сарсыҥҥытыгар мин илии­бэр бараахтаабыта. Тиһэх суолугар атаарсан, то­ҕус күнүн ылсан баран, туос биһикпин илдьэ дьиэбэр төннүбүтүм. Аҕам курдук кимиэхэ да тугу даҕаны эппэтэҕим… Аҕам кэпсээнэ мин уйулҕабын хамсаппатаҕа… Мин кырабыттан атын оҕо буоларбын билэр кур­дугум. Төһө да ийэлээх аҕам, эдьиийдэрим, убайым аттыбар баалларын үрдүнэн, соҕотохсу­йуу мин дууһабар бэйэбин өйдүөхпүттэн баара… Уонна хайа да түгэҥҥэ дьоммор барытын оҥорор иэстээхпин диэн толкуйдааҕым. Тоҕо оннугун билбэтим… Дьиэм аттыгар кыракый ырааһыйаҕа баар аарыма чөҥөчөккө сытан, мөлбөһө устар былыттары одуулуурум уонна кинилэргэ олорсон ханна эрэ ырыых-ыраах барбыт киһи, онно отой атын дьоннор миигин кэтэһэллэр дии саныырым. Ол умна быһыытыйбыт санаам, аҕам өлбүтүн кэннэ, уон төгүл күүһүрэн, өйбүн-санаабын, сү­рэхпин-быарбын аалбытынан барбыта. Кэргэммин, оҕолорбун мин туругум улаханнык уолуһуппатаҕа. Аҕатын аһыытыттан буолуо диэн, хайа сатанарынан аһарыннын диэн кыра оҕо­луу бүөбэйдэспиттэрэ. Онтон мин таспар устар ууну долгуппат бэрт холку курдугум буолуо да, испэр араас санаа күөстүү оргуйара… Тоҕо эрэ бэнидиэнньик аайы телевизорга “Жди меня” диэн передачаны көтүппэккэ көрөрүм, дьон бэйэ-бэйэлэрин хайдах көрдүүллэрин-булсалларын кэ­тиирим, араас былаан бөҕөтүн оҥосторум. Анаан-минээн «Якутгеология» архыыбын ба­ран хастаран, өр көрдөтөн, сылдьыбыт сыы­һы булар диэбиттии дьиҥнээх аҕам толору аатын, ханна, хаһан тугунан үлэлээбитин, ханна олорбутун, туох үөрэхтээҕин, туох дьоннооҕун толору билбитим. Ити тухары миигин ким эрэ үөһэттэн көрөн олорон, онно бар, мантан ыйыт, итини гын диэн салайар курдуга. Бу көрдөөһүнүм тугунан түмүктэниэн, тугунан эргийэн тахсыан саныахпын баҕарбатым, сэрэйэ сатаабатым. Аҕам эппитин хайаан да толоруохтаахпын диэн булгурутуллубат бирикээс ылбыт курдугум. Сыл аҥарын курдук буолан баран, сылаалаах ирдэһии, сыралаһыы кэнниттэн аҕам ааттаах киһи Санкт-Петербурга олорор аадырыһын илиибэр туппутум. Өр толкуйдуу барбакка, кимиэхэ да тугу да быһаарбакка, үлэбэр отгул ылан Питергэ көппүтүм. Питер былыттаах халлаанынан, сиигинэн-сил­бигинэн силбиэтэнэ көрсүбүтэ. Дугдуруй да оҕус диэбиттии, таксига олороот, булбут аадырыспын ыйбытым. Аадырыспар чугаһаатаҕым аайы ту­руоруммут кытаанах санаам мөлтөөн барбыта. «Тоҕо эмиэ көрдөөн эрэйи көрдөхпүнүй?! Бу үүт тураан олохпун уларыта сатаатахпыный? Баҕар отой да билиниэхтэрэ суоҕа… Оччоҕо хайы­ы­бын?» – диэн араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Так­ситтан түһэн, этээстээх дьиэлэр быыстарыгар саспыт, киһи тыына-быара хаайтарыах кыараҕас олбуорга, киириэхтээх ааным аттыгар баар ыс­камыайкаҕа бэрт өр олорбутум. Тахсыахтаах кы­бартыырам иһигэр баар дьону өйбөр оҥорон көрө сатаабытым. Соҕотоҕо дуу, элбэхтэрэ дуу? Баара дуу, суоҕа дуу? Уруккуну өйдүүрэ дуу, отой да умнубута дуу? «Чэ, олор-олорума, саҕаламмыт бүтүөхтээх, барытыгар туочука туруохтаах”, – диэн баран, подъезд аанын аһан үһүс этээскэ ыттыбытым. Киириэхтээх кыбартыырам аанын булан, турбах­таат, харахпын быһа симэн күүскэ салгыны эҕи­рийбитим уонна аан чуораанын баттаабытым. Чэпчэки атах тыаһа кэлэн ааны аһа баттаабы­та. Ааҥҥа эдэркээн кыыс оҕо турара. Мин оҕону эрэ көрүөм дии санаабатах буолан саҥабыттан маппытым. – Вам кого? – кыыс миигин атахпыттан төбөбөр дылы өрө көрөн таһаарбыта. – Савченко Анатолия Васильевича… – мин күҥ­ҥэ сүүстэ хатылыыр ааппын нэһиилэ ыган та­һаарбытым. – Дед, к тебе пришли! – кыыс кэннин хайыһан кими эрэ ыҥыран хаһыытаабыта. Хостон буруолуу сылдьар итии чэйдээх чаас­кытын туппутунан уһун төрөл оҕонньор атаҕын соһон аргыый тахсан кэлбитэ. Төбөтүн оройугар анньыммыт халыҥ таастаах ачыкытын аҥар илиитинэн умса тардан, ким кэллиҥ диэн ыйы­тардыы миигин одууласпыта. Тутан турбут чааскытын мүччү туппута муоста­ҕа хампы түһэн бытарыттар тыаһа мин сүрэҕим тэбиитин кытта холбоһон, саар куолакал курдук ньиргийэн ылбыта. Оҕонньор тирэҕин сүтэрэн тэмтээкэйдээн ыл­быта, истиэнэттэн тутуспута. Онтон тирэммит илиитин арааран субу охтуохтуу мин диэки дьүккүйбүтэ. Кыыс нэһиилэ туораан биэрбитэ. – Ариша-аа-а, – диэн унаарытаат миигин куу­һан бэйэтигэр ыга тарпыта. Мин кини санныгар өйөнөн, тугу да гыныахпын билбэккэ дөйөн турбутум. Биэтэккэ эстэн кэлбит сүүрүк курдук, тиийиэхтээх сирбэр тиийдим, сөп буолла уонна миэхэ туох да наадата суох диэбиттии ээл-дээл буолан хаалтым. Төбөм иһэ кубус-кураанаҕа, илиим-атаҕым бэйэбин истибэт курдуктара… Ол быыһыгар: «Ааппын хантан билэр?» – диэн уорбалыыр санаа киирэн тахсыбыта. Бэйэ-бэйэбититтэн нэһиилэ арахсан, кыратык тэйсэн, иккистээн тургутардыы бэйэ-бэйэбитин одууласпыппыт. Иннибэр уу-хаар баспыт ха­рахтаах, муус маҥан баттахтаах оҕонньор бэйэтин ханна гыныан билбэккэ миэстэтигэр тэпсэҥнии­рэ. Долгуйбутуттан илиитэ илибириирэ, санна ибигириирэ. Хайдах эрэ ис-испиттэн кинини олус аһыныах санаам кэлбитэ уонна бу сырыыга мин саҥа таһаарбытым: – Здравствуй, отец! – Инним диэки хардыылаан төрөппүт аҕабын ыга кууспутум. Өр сүтэрсибит дьон булсан, саҥа таһааран, иккиэн ытаан маккы­распыппыт. Иннибитин-кэннибитин быһаарсыбат буолбут дьону ааны аспыт кыысчаан сиэтэн дэл­лэритэн хоско киллэртээн дьыбааҥҥа олор­ду­талаабыта. Иккиэммитигэр туох эрэ хаап­пы­лаларын таммалатан иһэрдэн тыын киллэр­тээбитэ, уу кутан аҕалбыта. Кыыс төттөрү-таары элэстэнэн, хампы түспүт чааскы үлтүркэйин хо­муйарын быыһыгар ханна эрэ төлөпүөннээбитэ. “Приезжайте немедленно! Дедушка бабушку на­шел,”– диэбитин истэн хаалтым. Тоҕо миигин бабушка диирин өйдөөбөтөҕүм. Арыый уоскуйан, киирбит хоспун эргиччи көр­бүтүм. Элбэх да элбэх кинигэлээх долбуурдар быыстарыгар, саамай көстөр миэстэҕэ, остуол утары мин хаартыскам ыйанан турара. Сөҕөн аргыый миэстэбиттэн туран, чугаһаан сыныйан одууласпытым. Мэтириэт дьүһүнэ үкчү мин кур­дуга, бэл диэтэр чэчэгэйбэр баар мэҥниин. Ол гынан баран мин буолбатах этим: таҥаһа-саба, дойдута, кэмэ атыттара. Сэмэйдик күлүм аллайбыт, халыҥ баайыы куопталаах дьахтар үөрбүтүү утары көрөрө. Испэр: «Ийээ, дорообо! Мин кэллим…» – диэбитим, хаартыска арааматын имэрийэн ылбытым. Кэннибин эргиллибитим оҕонньордоох кыыс харахтарын миигиттэн уонна мэтириэттэн араар­бакка, сөхпүттүү, хардары-таары көрбөхтүүллэрэ. – Я другая Арина, – диэбитим мин. Ордук-хоһу тугу да быһаарбакка, суумкабыттан илдьэ кэлбит биһикпин хостообутум уонна оҕонньорго ууммутум. Оҕонньор икки илиитинэн сэрэнэн биһиги ыл­быта, эргим-ургум туппута, ыксаабыттыы ачы­кытын көннөрө-көннөрө эргитэ сылдьан, биһик иһин-таһын сирийэн чинчийбитэ. Ол быыһыгар: «это я же мастерил», «это я же написал», – диэмэхтээбитэ. Миэхэ эргиллэн: – Я понял, ты – Олюшка… Мы с мамой так хоте­ли назвать… – диэхтээбитэ, салҕалас илиилэринэн миигин ыга тардан, кыра оҕону бигиир курдук имэрийэ-имэрийэ олорбута. Төһө өр оннук олоруохпут эбитэ буолла, киирэр аан чуораана өрө тырылыы түспүтэ, кыыс аан аһа ыстаммыта. Ыксаан уйулҕалара көппүт дьах­тардаах эр киһи хоско биирдэ баар буола түс­пүттэрэ. Эр киһи миигин көрөөт, быһаарар бокуой биэрбэккэ, «нашлась…» диэт, сүүрэн кэлэн кууһа түспүтэ, үрүт үөһэ сыллыырын быыһыгар: «Какое счастье! Нашлась…» – дии-дии аҥар илиитинэн аҕатын хаһыйа тардан, үһүөн турбут сирбитигэр эргийэн ылбыппыт. Хаалбыт дьахталлар ытаһа түһээт биһиэхэ кыттыспыттара. Кыысчаан, бу дьон оҕолоро, оҕонньор сиэ­нэ, остуол тардарын, ону-маны дьаһайан элэс­тэнэрин быыһыгар хайдах ааны аспытын, онтон туох буолбутун кэпсээн-ипсээн, биһиги тыын ылар­бытыгар бириэмэ биэрбитэ. Хантан эрэ ик­ки аастыйбыт баттахтаах оҕонньоттор кэлбиттэ­рэ. Улам уоскуйан, син быһаарсан, өйбүтүн-төйбүтүн булан, бэлэм буолан хаалбыт остуол тула олорбуппут. Бары кэтэспиттии, тугу эрэ эрэй­биттии мин диэки хайыспыттара. Мин төһө кыалларынан, төрдүбүн-ууспун хай­дах билбиппин, кинилэри хайдах көрдөө­бүппүн кэпсээбитим. Оҕонньоттор лаппыйан ыйыталаһа-ыйыталаһа чоп­чулаһа олорбуттара, онтон бэйэ-бэйэлэ­рин си­тэрсэ-ситэрсэ хайдах бииргэ геологическай ин­сти­тукка үөрэммиттэрин, онно Анатолий Ва­си­льевич Саха сириттэн сылдьар Аришаны көр­сөн, улахан­нык таптаан, ыал буолбуттарын, уол оҕоломмутта­рын, үөрэхтэрин бүтэрэн бары тутуспутунан Саха сири­гэр үлэлии барбыттарын, Ариша онно иккис оҕо­ло­нон баран ууга был­дьаммытын, дойдутугар илдьэн көмпүттэрин, оҕону көрдөөн булбатахтарын кэпсээбиттэрэ. Кэп­сээннэрин быыһыгар: «надо же, как похожа на мать», «смотри, точно, как Арина» диэн саҥа аллайаллара. Мин манна өссө бииргэ төрөөбүт убайдаах­пын, саҥастаахпын, балтылаахпын билбитим. Киэһэ оҥорон биэрбит оронноругар, утуйаа­ры сыттахпына Анатолий Васильевич киирэн, сүүспүттэн сыллаан ылбыта уонна: – Спокойной ночи, доченька! Какое счастье, что ты нашла нас, больше я тебя не потеряю, – диэбитэ. Кыра оҕо курдук биэбэйдэнэн, оҕо сааспар түһэн ылбытым. Өр сылларга көрдөөбүт сүтүгүн булбут, аҕам иннигэр иэспин толорбут киһи бы­һыытынан, уоскуйан кыбыс-кытаанахтык уту­йан хаалбытым. Өйүм-санаам барытын ылыммыта, арай сүрэ­ҕим сөбүлэспэккэ төрөппүт аҕабын өргө диэри Анатолий Васильевич диэн ыҥыра сылдьыбытым. Кини иһигэр хомойоохтуура буолуо да саҥарбата, өйдөөбүтэ. Саха сиригэр кэлэ сылдьан, аат ааттаан ийэлээх аҕам уҥуохтарыгар тахсан саҥа таһаа­ран махтаммыта. Онтон мин олоҕум, майгым-силигим тосту уларыйбыта. Урут бэйэм бэйэбэр сөҥөн, күөх оту тосту үктээбэккэ, сымыыттааҕар бүтэй, уутааҕар чуумпу сылдьыбыт буоллахпына, билигин бэ­йэтигэр эрэнэр, кэлбит-барбыт, тирэҕин булбут дьаһаллаах табаарыс, бизнес-вумен буолбутум. Оннук, олоххо киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа эл­бэх буолар… Ханнык эрэ түгэҥҥэ сэбирдэх саһаран түһэр буоллаҕына, саас аайы кини чэлгийэ тыллар, са­ҥалыы олоҕу саҕалыыр.

Айсан

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 15:21

Эргэ отоххо

Тус бэйэм абааһы, иччи диэни олох итэҕэйбэт этим. Оҕо эрдэхтэн иитиибит да оннук этэ. Ол санаабын биир түгэн тосту уларытан турар. Онтон бэттэх абааһы, атын күүс баар диэн итэҕэйэр буолбутум. Быһата, ол маннык буолбута.
Арай биир күн төрдүө буолан моонньоҕоннуу бардыбыт. Эдэр дьон саҥабыт-иҥэбит, айдааммыт-куйдааммыт туох да сүрдээх. Ол курдук ньамалаһан син үргээтэҕэ буолан, дьиэбитигэр төннөн истибит. Төннөр суолбутугар арыый да халыйан, балай да сэнэх ампаардаах өтөххө кэлэн сынньана олордубут. Бу ампаар дьиэни урут да көрөр этибит (бөһүөлэктэн соччо ырааҕа суох сиргэ турара). Ол эрээри иһигэр киириэхтээҕэр, өҥөйөн да көрбүт суоҕа. Көрүөҕүҥ диэн буолла. Иһигэр киирбиппит, киһи сэргиирэ туох кэлиэй. Ампаар ампаар курдук. Хата, сөрүүнэ диэн ааттаах. Онно олорон бэйэ-бэйэбитин куттастаҕа буолан айдаарыстыбыт ахан. Ол кэннэ дьиэлээтибит. Арай дьиэбэр тиийэн көрбүтүм, былаатым суох. Бэйэм былаатым эбитэ буоллар соччо көрдөөн сүпсүгүрүөм суоҕа эбитэ ини, онтум миэнэ миэнин курдук, эбэм эмээхсин туохтааҕар да харыһыйар былаатын кэс тыл биэрэр кэриэтэ ааттаһан, көрдөһөн уларсыбытым. Хайыахпыный, сылайбыт киһи сүрэҕэлдьээтэрбин да, көрдүү ойдоҕум дии. Арааһа, өтөххө хаалларбыт буолуохтаахпын диэн, быһа онно сүүрдүм. Тиийээт, онон-манан көрдөөтүм да булбатым. Ампаарга киириэхчэ атыллаан иһэн, иһирдьэ туох эрэ тыаһыырыттан тохтуу биэрдим. Арай көрдөхпүнэ, биир хайа эрэ эмээхсин тугу эрэ букунайар да букунайар. Миэхэ кэннинэн буолан сирэйэ көстүбэт. Мин туох эрэ диэн ыйытан саҥа таһаардым быһыылаах. Ол күтүрүм эмискэ эргиллэ биэрбитигэр көрбүтүм, доҕоор, киһиттэн ураты атын харамай турар эбит ээ! Хараҕа үүт-үкчү куоска киэнин курдук. Тохтоло суох бабыгырыыр, ырдьыгыныыр курдук тыас таһаарарын быыһыгар үс муннуктуҥу кырыылаах тиистэрэ килэһэллэр. Мин сүһүөхпүн уйуттубакка тобуктуу түстүм. Ол харамайым устар кэриэтэ сыыйыллан, аттыбынан ааһан, таһырдьа тахсан барда. Эчи, сыта-сымара куһаҕанын! Төрөөн баран оннук куһаҕан сыты ыла иликпин. Онтон туран дьиэбэр хайдах тиийбиппин адьас өйдөөбөппүн. Кэлин кыһыытын-кыһыылаах, былааппын үрүсээгим сиэбиттэн булан ылбытым. Туох абааһыта миигин куттаан өлөрө сыспытын олох билбэппин. Ампаар дьиэ олохтооҕо эбитэ дуу, ааһан иһэр абааһы эбитэ дуу? Арай биири өйдөөбүтүм: иччитэх сиргэ мэнээк айдаарар сэттээх-сэмэлээх буоларын. Биһигиттэн ураты абааһы, үөр диэн баар буолар эбит.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 15:43

ИДЭҺЭ БАРАХСАН

…..Оҕуруоттаах…..Суотту…..

“Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн,”- диэн ѳс хоһооно идэһэни ѳлѳрүүттэн, муҥхалааһын саҕаланыаҕыттан ааҕыллар. Бу кэмҥэ ас-үѳл дэлэйэр, санаа кѳнньүѳрэр. Кыстык кэмэ уратыта диэн муус ылыыта, идэһэ ѳлѳрүүтэ, күһүҥҥү муҥха барыта биир кэмҥэ түбэһэр буолан үлэтэ баһырхай. Идэһэлэнэ сырыттаххына мууһун халыҥыыр, муускунан дьарыктаннаххына халлаанын тымныйар. Дьэ, ол иһин тыа киһитэ барахсан барытын аттаран үлэлиэхтээх.
Баһылайка быйыл 5-гэр сылдьар ат кунанын ѳлѳрүѳхтээх. Оҕонньор сүѳһүлэрин бэйэтэ кѳрѳр, оҕо курдук бүѳбэйдиир . Идэһэни сүүскэ охсуохтааҕар ѳлѳрѳллѳрүн да кѳрѳѳччүтэ суох. Хата ол оннугар ыгым майгытыгар тэптэрэн мѳккүспүт киһитин чэпчэки да буоллар чэчэгэйгэ баран кэлээччи. Ону эттэххэ, “киһи мѳккүһэр буоллаҕа”,- диэн тыллаах буолааччы.
Бүгүн сүѳһү ѳлѳрѳргѳ анаабыт курдук үтүѳ күн үүннэ. Хаан сытын билэн хара тыа хара суордара “кулук-халык” саҥарсан дэриэбинэни уһаты-туора кѳтѳн куһурҕаспыттара ыраатта. Баһылайка кырдьаҕас киһи сиэринэн ыксаабакка аа-дьуо малын-салын бэлэмнии сырытта. Үѳлээннээ5э Сиидэр кѳмѳлѳһѳ кэлиэхтээх. Сиидэр үйэлээх сааһыгар сүѳһү сааҕыгар биккиллибэтэх киһи. Хата дьэ, тылынан баҕас кини саҕа сүѳһүгэ үлэлээбит киһи суох. Кинини билбэт дьон аһынан “Оо, барахсаны”,- диэхтэригэр дылы кэпсээччи.
Баһылайка тиэргэнигэр тѳттѳрү-таары тэйбэҥнии сылдьан “Оҕуспун киминэн оҕустарабын?”- диэн санааттан ырааҕы толкуйдаабат буолла. Ол сырыттаҕына атахтаһа олорор ыалын уоллара Куонааскы обургу доҕорунаан, Киргиэлэйдиин дьиэттэн бѳтѳрѳҥнѳһѳн тахсан, кыстык маска тиийэн, чууркаларга олороот табахтаабытынан бардылар. Баһылайка “сэксэс” гына түстэ. Идэтинэн үтүлүктээх илиитинэн ыстаанын ѳрѳ тардыммыта буолла. Ыскаабар баар буоккатын саныы-саныы уолаттары сапсыйан ыҥырда. “Тугу гынабыт?”- дии сылдьар уолаттар ѳр ыҥыртара туруохтара дуо, бу ыстаҥалаһан кэллилэр. Сүѳһү ѳлѳрүѳхтээҕин эппитигэр уолаттар “Ханна баарый?”- дэһэ түстүлэр. Этитэ да барбакка далтан сиэтэн таһааран, баҕанаҕа эрийэ кѳттүлэр…Оҕус эрэйдээх ѳлѳрүн билэн бууһурҕаччы тыынна, хос-хос хойуулаан туманнатта, хааннааҕынан кѳрдѳ, хараҕыттан уу-хаар баста. “Сүгэни дабаай,”- диэн буолла. Баһылайка оҕуһун аһынан сүрэҕэ ытырбахтаата, салҕалас илиитинэн мас хайытар килиин сүгэни биэрдэ, Куонааскы обургу сүгэни ыараҥнатан кѳрдѳ уонна оҕонньорго:

  • Баһылайка, манан оҕустахпына оҕуһун ѳлѳн хаалыа суоҕа дуо?- диэтэ. Оҕонньор ѳйдѳѳбѳтѳ:
  • Онтон биһиги ѳлѳрѳ сатыыбыт буолбатах дуо?- диэтэ бэркэ мунааран, итиэннэ барбатах балык минин курдук кѳрѳн кэбистэ.
  • Суох оҕонньор, миэхэ оҕус ѳлѳрѳ наадата суох, дѳйүтэн түһэриэхпин наада. Дѳйѳн, сүрэҕэ үлэлии сыттаҕына хаана элбэх кэлиэ этэ буоллаҕа.
  • Оннук сах этэ дуу?..
  • Бар, тэттик тэлэгэр сүгэни аҕал,- Куонааскы обургу кыыла турбута сүр. Сутуругунан охсуохтуу оҕус будьурҕай сүүһүн тоҥсуйбахтаан ылла. Сүѳһүнү сүүскэ охсортон атын үлэни сатаабат курдук тутунна. Баһылайка дьону баһаалыстаҕа үлэлэтэ сылдьан хос этиттэрэ сылдьыа дуо, умса-тѳннѳ түһэн тэрээк сүгэни аҕалан Куонааскыга туттаран кэбистэ уонна:
  • Куонаан, эрэйдээбэккэ ѳлѳрѳѳр эрэ. Бээрэ, мин дьиэҕэ киирбитим кэннэ охсоор,- диэтэ.
  • Сѳп-сѳп,- уол тирэҕин булунардыы хаары хаһыйбахтаата. Оҕонньор кѳхсүнэн буоларын кытта, оҕус сүүһэ сүр тыастаахтык “Тоос!” гынна. Дьоннор үрдүлэринэн ыт да сирэн сиэбэтэх сүѳһү куһаҕанын ытыран испит суор соһуйан тиэрэ ханарыйда, тэлиэс-былас дайбанна, сыптарыйан ыһыырта, бэрт куһаҕаннык саҥараары били бэйэлээҕин мүччү тутта. Баһылайка иэнэ кэдэс гынна, эргиллэн кѳрбүтэ оҕуһа эрэйдээх орулаабытынан тура сатаан эрэр эбит. Сүгэ иккистээн күѳрэйдэ, Баһылайка хараҕын быһа симнэ, кулгааҕын саба тутунна. Идэһэ барахсан…
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 15:44

Алыптаах талааннааҕа

КҮЛҮК

   Муус устар бүтэһик күнэ. Куксуола Ньукулаастаах балаҕаннарыгар дүҥүр тыаһа ньирилээн, кыаһаан тыаһа күүгүнээн, ыраас дьикти куоластаах, хомоҕой тыллаах ойуун кыыран илгистэ, иҥиэттэ турарын көрө кэлбит дьон тыыммакка да, хас хамсанарын ааҕан көрөн, сөҕө-махтайа олорбуттара. Кыһалҕалаах ыаллар, урут ытык дабаппыт сылгылара «хаарыйан», хас да киһилэрэ өйдөрө хамсаан ыалдьар буолбут. Ол иһин бу бүгүҥҥү ааттаах күн ытык дабатыы кыырыыта саҕаламмыта.

Ытык дабатыы

   Балаҕаҥҥа сыһыары бүтэй хаһаа оҥорбуттар. Ол ортотугар сэргэни туруорбуттар. Ытык дабатыы бары сиэрин-туомун бэлэмнээбиттэр. Ытык дабатарга анаан түөрт саастаах атыыр соноҕоһу оҕуурунан тутан, атынан состорон аҕалан, ол бүтэй хаһааҕа хаайбыттар. Ойуун балаҕан ортоку түннүгүн ыллаттаран баран, хаһааҕа хаайыллыбыт, киһиэхэ чугаһаабыт атыыр соноҕоһу саҥара-саҥара илиитинэн ыҥыран ылбыт. Атыыр түннүгүнэн баһын укпутугар, чабычахтаах кымыһы биэрбиттэрин аҕыйахтык омурдан иһэн кэбиспит, кистээн дьырылаппыт. Онтон ойуун таһырдьа тахсан кыырбыт. Ортолуу кыыран иһэн, атыырын бас быалаан, сэргэҕэ соҕуруу диэки хайыһыннаран баайан, кыыран илгистэн барбыт да, атыыра төбөтүн сир диэки умса анньан хамсаабакка турбут.
   Эдэркээн сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт, сытыы-хотуу ойууну убаастаан «Ытык кырдьаҕаһынан» ааттыыр буолбуттара. Нэһилиэгэр эрэ буолбакка улууһугар биллэр улахан ойууннар ахсааннарыгар киирбитэ. Кини аата билигин норуокка биллибэтэҕин иһин, оччотооҕу кэмҥэ: «Бөтүрүөп-Чалбааттыыр ойуун дуо?» – дэтэн сылдьыбыта.
   Чалбааттыыр ойуун, сурулларынан Осипов Иннокентий Петрович, 1882 сыллаахха Мэҥэ улууһугар Чүүйэ сиригэр төрөөбүтэ. Бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, сахаҕа орто уҥуохтаах этэ. Кини 14 сааһыгар «эттэтэн» ыалдьан, суорҕаҥҥа-тэллэххэ үс сыл сытан, ойуун буолар бары сиэрин барытын ааһан, 18 сааһыттан дүҥүрдээх, кыырар таҥастаах буолбута. Урукку кэмҥэ аатырбыт улуу Ноонум ойуун сиэнэ буолан, ойууҥҥа уһуйтарар кэмигэр, икки ойуун арыаллаан кинини уһуйбуттар. Чалбааттыыр кыырар таҥаһа балтараа буут кэриҥэ ыйааһыннаах. Кини хомуһуна олус күүс­тээҕин, атын ойууннартан ураты дьоҕурдааҕын сөҕө кэпсииллэрэ. Чалбааттыыр ойуун кыырыытын көрбүт кырдьаҕастартан ыйыталастахха, кини атын уратыта диэн хас да чааһы тохтообокко, кыыран эккирээн, чэпчэки-чэпчэкитик дугунан, дүҥүрүн олус дьиктитик, киһи имэҥирэн барыахтык охсорун, олус кырасыабайдык хамсанарын сөҕөн кэпсииллэрэ.

Бассабыыктар

   Гражданскай сэрии сылларыгар Чалбааттыыр ойууну кыһыллар тутан ылан: «Эн бассабыык былааһыгар ойуумсуйуо суохтааххын, хараҥа дьайгынан албыннаан кыра-хара дьону бутуйума. Ол эрээри, мантан чугас ханна эрэ бандьыыттар тобохторо бааллар, ханна баалларын чопчу ыйан кулу!» – диэн ыкпыттар-түүрбүттэр. Тэҥ­нэһиэ дуо, саалаах дьон ортотугар туран эрэ аккаастыыр кыаҕа суоҕа. Кини таҥаһын уонна дүҥүрүн көрдөөн ылан кыырбытынан барбыт. Балачча кыырбахтаан иһэн көрүү көрүүлэммит. Онно бандьыыттар Чонойо алааска икки балаҕанынан тарҕанан хоно сыталларын эппит. Онуоха кыһыллар: «Эн билигин биһигини кытта ол Чонойо алааска барсаҕын, өскөтүн сымыйалаабыт буоллаххына, бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар!» – диэт, аттарын үр­дүлэригэр түһэн, Чалбааттыыры мэ­­ҥи­­һиннэрэн илдьэ барбыттар. Чонойо алааһыгар тиийэн тыа саҕатыгар аттарын тохтотон баран: «Ойууҥҥун өссө көрдөр, аны дүҥүрэ, таҥаһа суох тыалла түһэрэн, хаары күдээрит!» – диэ­биттэр. Ойуун уруккуттан сатыыр суола буолан, хомуһунун киллэрэн, күүс­тээх тыалы түһэрбит. Ол тыалынан хаххалатан, туох да хаан тохтуута суох бандьыыттары тутуталаан ылбыттар. Кыһыллар сүрдээҕин сөхпүттэр, ол эрээри Чалбааттыырга бэрт кытаанахтык: «Эн, кырдьык, кыахтаах, күүстээх ойуун эбиккин. Ол эрээри, Сэбиэскэй былаас эн кыра-хара дьону ойууннуургунан иирдэргин, дьону албынныыргын сөбүлээбэт. Онон бу биһиги былааспытыгар үчүгэйинэн сылдьыам диир буоллаххына, дүҥүргүн, ойуунуҥ таҥаһын биэрбэппит!» – диэбиттэригэр Чалбааттыыр ойуун тыыннаах хаалларалларыгар үөрэн, бассабыыктарга махтанан, баһыыбалаан дьиэлээбит. Ол онтон ыла «Бу Сэбиэскэй былаас миигин сиэтэ-аһаата» диэн биир да хом тылы таһаарбакка Орто дойдуттан аттаммыта.Харабыллар

   Кэлин дьон тылын быһа гыммакка, кинилэр көрдөһүүлэрин толорон, дүҥүрэ да суох кистэл бөҕөнөн эмтээн үтүөрдэрэ, быраастар, биэлсэрдэр кыайбатах ыарыыларын эмтиирэ. Төбө ыарыытын, искэни суох гыныыга, тостубут уҥуоҕу тутууга, онтон да атын ыарыылары тутатына үтүөрдэр ньымалааҕа. Уҥуохха харбыт киһини курдаттыы түөһүттэн оборон ылара. Кини хойукка диэри холкуоһугар, кэлин сопхуоһугар сүөһү бостуугунан үлэлээбитэ. Бу үлэлээ­бит кэмнэригэр биир да сүөһүнү сүтэр­бэтэх. Мэччирэҥнээх сирин алаастарын күрүөлээн кэбиспит. Алаас ааннарыгар маһынан киһи сирэй-эмэгэттэри оҥорон туруортаан кэбиһэр идэлээх. Ону кырдьаҕас дьоҥҥо-сэргэҕэ: «Ити харабылларым», – диэн күлүү-оонньуу курдук этэн кэбиһэрэ. Чалбааттыыр оронугар сытан эрэ, ол «харабылларын» кытта сибээстэһэн кэпсэтэ сытар идэлээҕэ. Хайа эмэ сүөһү тахсаары, бүтэй сиэрдийэтин моонньун уган олуйдаҕына, ол «харабылларын» мөҕөр-этэр.
   Биирдэ тастыҥ быраата Түмэппий матасыыкылынан алаас ортотунан киирэн, уҥуор тахсан аан аллараа сиэрдийэтин саппакка барбытыгар, Чалбааттыыр биэс биэрэстэлээх сиргэ дьиэтигэр сытан эрэ: «Оок-сиэ, бу да киһи, сүөһүлэри таһаартаары бүтэй аллараа сиэрдийэтин саппата ээ! Эмээхсиэн, бырааппыт Түмэппий иһэр, чэйгин бэлэмнээ», – диэн баран, улаҕа диэки хайыһан сытынан кэбиспит.
   Били эппитин курдук, Түмэппий өр-өтөр гымматах, бу тигинэтэн кэлбит. Дьиэҕэ киирбитигэр эмээхсин чэй кутан аһата олордоҕуна, Чалбааттыыр эргиллибэккэ эрэ: «Быраатым, ити кэлэн иһэн аан аллараа маһын тоҕо саппатыҥ? Сүөһүлэр аһаҕас буолан, тахса сатыы тураллар». Онуоха Түмэппий этэ тыбыс-тымныынан «дьар» гыммыт уонна тугу да саҥарбакка тахсан барбыт. Төннөн тиийэн, бүтэйин сабан баран дьиэтигэр барбыт.

«Кыһыл арыгыта аҕал…»

   1965 сыллаахха атырдьах ыйыгар Петров-Чалбааттыыр салҕа ыарыыга бэрт өр ыалдьан өлбүт. Кырдьаҕас өлбүтэ нэһилиэккэ тарҕана охсубут. Бу бириэмэҕэ Чалбааттыыр кыыһын курдук саныыр балтын кыыһа, Савва диэн уолга кэргэн тахсан, сыбаайбалаары болдьообут күннэрэ тиийэн кэлбит. Оҕонньор өлбүт иккис күнүгэр сыбаайба буолуохтааҕа, ыраах нэһилиэктэртэн, Дьокуускайтан тиийэ ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлитэлээбиттэр. Паша оҕо эрдэҕинэ быһа оонньоон, кэпсэтэн эһэтин курдук саныыр кырдьаҕаһа өлбүтүттэн олус хомойон, ытаан, сирэй-харах мөлтүүр. Кырдьаҕаһы хоруоба суох уҥа ороҥҥо сытыараллар. Өлбүтүн иккис күнүгэр 12 чаас саҕана, эмээхсинэ Биэрэ иһиттэҕинэ, оҕонньорун саҥата: «Биэрэ, кыһыл арыгыта аҕал», – диэбит. Биэрэ эмээхсин кутталыттан таһырдьа ойбут уонна үөлээннээҕэ Балбаара эмээхсини ыҥыран аҕалбыт. Өлүү болдьохтоох, кыһыл арыгылара суох буолан, испиири отон уутунан кытардан, оҕонньордорун өйөөн иһэрпиттэр. Оҕонньор этэ сылыйан, имэ тэтэрэн барбытыгар, Балбаара эмээхсин сүүһүн имэрийэ-имэрийэ, алҕаан көрдөспүт: «Иримэ, тоҥ, өлбүт киһи суох, иэскин толороҕун, тоҥ, аймахтаргын куттаама, оҕоҥ урууҥ да суох, эмээхсиҥҥин куттаама, эрэйдээмэ», – диэбитигэр, кырдьаҕас оргууй сойон, этэ тымныйан, кубарыйан барбыт.
   Кыра бөһүөлэк иһигэр «кырдьаҕас­пыт тиллэ сылдьыбыт үһү» диэн начаас үлүгэр кэпсээн тарҕана охсор. Онуоха олохтоох кырдьаҕастар: «Кыыһын Пашаны сөбүлүүр аҕай этэ, оҕотун арыгытыттан иһэн бардаҕа, үтүөнү санаатаҕа», – дэспиттэр. Ол күн сыбаайба буолбут. Олус күүстээх тыалы кытта ардах бөҕө түспүт. Уулуссаҕа киһи кыайан хаампат уута халыйбыт. Кырдьаҕаһы сарсыҥҥытыгар таһаарар күннэригэр ып-ыраас, сып-сылаас, күн да күн буолбут.
   «Кырдьаҕаспыт иинэ уунан туол­лаҕа, биэдэрэлээх барыаххайыҥ», – диэн биэдэрэ, быа ылан тиийэн көр­бүттэрэ, оҕонньор иинин тула биир да таммах түспэтэх, буора кубус-кураанах буолан биэрбит. Дьон олус диэн сөхпүттэр: «Кырдьаҕаспыт үтүө санаата баһыйан, дойдутун айылҕатын ыраастаан барда», – дэспиттэр.

Үтүө санаа

   Кырдьаҕас кырдьык үтүө санаалаах эбит. Кырдьан-бохтон олордоҕуна ииппит уола, итирэн кэлэ-кэлэ, кырбаары ыксатан, ыалга баран хонорго күһэллэрэ. Онно кини, хаһан да уолум оннук куһаҕан киһи диэн, дьоҥҥо мэнээк кэпсээбэт этэ.Улаханнык ыалдьыбыт киһиэхэ бэ­йэтинэн тиийэн, эмтээн биэрэрэ уонна туох да манньаны ылбат, хата, төттө­рү­түн, мэнээк кэпсии сылдьаа­йаҕын диэн көрдөһөрө үһү. Кыра оҕолору олус сөбүлүүрэ, ыарыйдахтарына кыра ыарыыларын эмтээн үтүөрдэн кэбиһэрэ. Ол иһин олохтоохтор олус ытыгылаан, истэриттэн таһаарбаккалар, уостарын иһигэр ботугураан махтаналлара.

Кэрэх маска ыттан

   Семен Петрович Колосов Чалбааттыыр ойуун Күөрэлэ алааска Байбал оҕонньордоох Ньукулааһа диэн орто уоллара эмискэ таттаран ыалдьыбытыгар кыырбытыттан.
   Үс үрүттээх үрдүк киэҥ балаҕан дьиэҕэ, оччотооҕу айыыны, иччини итэҕэйэр алаас ыалларын дьоно дьиэни кэриччи барбыт сыҥаһа ороҥҥо лыык курдук ыга симсэн олороллор. Саас муус устар бүтэһик кэмнэрэ буолан, күн уһаан, халлаан имэ сүтэрин кэтэһэллэр. Ойуун түннүгү-үөлэһи бүөлэппэтэ. Оттуллубут симии (көмүлүөк) оһох уотун суулаппата. Ол да буоллар, барыҥый, бадыа-бүдүө. Ойууну арыаллаан, дьон холумтан аттынан хаамтахтарына, күлүк курдук барыгылдьыһаллар. Ойууну оһох уҥа чанчыгар, дьоҥҥо көстөр гына икки киһи таҥаһын кэтэрдэн олортулар. Ойуун сиэрин-туомун, кыырар бы­һыы­тын-майгытын үтүктэр Хохор Бүөтүр кутуруксутунан ананан үлэтин толорбутунан барар. Кини дүҥүрдээх былаайаҕын кыратык сэгэлдьиччи охсо-охсо алҕаан туран ойууҥҥа кэнникинэн тиийэн туттарар…
Ойуун, дүҥүрүн куойатын аллара суптугур өттүнэн түһэҕэр ыран өрө тутан олорон, оргууй охсон лоҥкунатан, арбах баһын дүҥүрүн иһигэр уган иһиллээн, эмискэччи үлүгэр иһиирэн часкыратта. Өрө кэҕийбэхтээн суордаан, кэҕэлээн, аҥырдаан, хоптолоон, чөкчөҥөлөөн, бабыгырыы-бабыгы­рыы баһын хантаҥнатан, бүлгүнүн бүгүл­лэҥнэтэн, илгистэн көхсүн босхо ыытан, дьигиҥнэтэн, кыырар таҥаһын кыаһаана кылырҕаан-халырҕаан, кылабачыйа ыһыллаҥнаан, көхсүн тойон чуораана чугдаарбахтаата. Эҥээр ийэ чуораана чугдаарбахтаата, аал уотун алҕаан-ааттаһан кутуран киирэн барда…
   Ойуун төннөн, оргууй эккирээн, тү­һэн кэллэ. Олоҕор олордо. Балачча сөҥөдүйэн, өр олорон баран, көрүү көрүүлэннэ: «Байбал оҕонньор, өтөххүт уҥа саҕатын хааһын үрдүгэр өҥөйөн турар муҥурах тииккэ кэрэх иччитэ кэлэн кэтэһэн турдаҕына, ити сытар ыалдьыбыт уолуҥ кэрэх маһы хаппыт буорунан тамнаталаабыт, кэрэх маска тахсан киирбит. Хата, Айыыһыт хотунтан айдарыылаах буолан, тыыннаах ордубут. Дьэ, чыҥайдарыам, ол эрээри түөрт атаҕар хатыҥ тоһоҕотун курдук суй маҥан, мэрдьэннээх тумустаах, чоччуруос тумустаах, чоккуруос харахтаах, ураанньыктаах сирэйдээх, түөрт туйаҕа тарах дьэҥкир, куонай кугас биэ сылгы хас ый сэттэ эргэтин аайы, бастыҥ түннүккүтүнэн, хомуут кэтэригэр үрдүк арҕаһыгар дылы баһын уган туран иҥэрсийэ-иҥэрсийэ бүгүлэхтээн кэҕийэр эбит ээ! Оо, күтүр өстөөх көстүбэт сүөһүтэ!»– диэт, уһуутуу түһээт, ойон туран кэтэҕириин ороҥҥо убайыгар Мэхээлэҕэ өйөт­төрөн, сыттык үрдүгэр иэгэйэн олоҕор Ньукулааһаҕа тиийэн, эмискэ үрдүгэр саба нөрүйэн иһэн, уһууталаат тараччы уҥан, тас иэнинэн быластаабытынан тиэрэ түһэн истэҕинэ, Хохор Бүөтүр уонна Сүөдэр иккиэн, кэтээн туран, илиилэрин үрдүгэр түһэрэн, тараччы көтөҕөн аҕалан, олоппоһугар олордоллор. Онуоха дьон саҥата: «Улуу дьаалы, ойуун киһи, лах-лах-лах!»– дэһэллэр.
   Ойууҥҥа тыын киллэрэллэр, табах тартараллар. Онтон дүҥүрүн ылан, охсон лоҥкунатар. Чалбааттыыр ойуун ойон турда, илиҥҥилии-соҕуруу халлаан туспатын туһунан иирээн төрдө манан буолуо диэн, күөс быстыҥа кыыран, эккирээн чолойон, кэрэх абаа­һытын үөһэ үтэйэн, үүрэн кэбистэ. Төн­нөн кэлэн олоҕор олорон кэп туонна, кэлэр өттүн кэпсээтэ.

А.С. Федоров «Өбүгэ сиэрэ-туома» кинигэтиттэн.
Дьокуускай, 2011 сыл.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 15:45

Ойуун көрүүлэниитэ

Аар дьаалы! Аар татай абаккам! Хомпоруун хотой буолан көтөн күпсүйэн тиийэн, хохуол  сирин  көрдөҕүм үһү. Куһаҕан биккэ дылы, күтүр өстөөх көһүннэҕэ баҕас тугун сүрэй ! Хаанымсах хохуол тойонун сотору, хараҕын суордар оҥууһулар. Күлэ ,күлэ күлүн таптайыыһылар. Иэрийэ ,иэрийэ иҥиирин сыыйыыһылар.  Илбис тыынын иҥэрбит илээти, бэйэтин дьоно ибили сынньыыһылар. Эрдэ даҕаны Эмиэрикэ эттэҕин аайы ,бар дьону ыарыынан сутуйбут. Дьааты дьаабылаабыт, сүлүһүнүнэн сүүлүргээбит. Ускайдаатахтарын аайы уруускайдары буулуур эбит. Сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһан, ыарыы бөҕөнү ыыппыт. Эттэхтэрин аайы эйэлээх дьону кыргыбыт, айдаардахтарын аайы аҕыс сылы быһа аймаабыт. Туох барыта иэстэбиллээх дииллэринии ,бэйэтин үрдүгэр уот тобурах түспүт. Уот Уһутаакы кыһыл тылынан куһуйбут. Сэриинэн тииспитин бэйэтин сиритэ - хайыта курбуулаабыттар. Хохуол тойоно хорҕойон сытан хойох хостуур, саһан сытан салайарыгар тиийбит.  Эмиэрикэлэргэ эккэлээн эриэн ыт элэгэр киирбит, күрүөмүллэри кытта күрэс былдьаһаары , күөрт ыт күлүүтүгэр киирбит. Арассыыйа дьоно аракыата бөҕөнү ыыппыттар ,Буутун дьоно буусканан бурҕаппыттар.
Хохуоллар хотуолуу ,хотуолуу куотан хорооннорун кэҥэппиттэр. Уйаларыгар уу киирэн уһун уулара уйгуурбут.
Ыҥырыа уйатын ыыра тардыбыттара, ынырык кыргыһыыттан ытаһыы - соҥоһуу бөҕө буолбут!
Дэлби тэбииттэн сир ийэ титирэстиир. Халлаан тымныйыыта хара хаан тохторо хаптайыыһы. Хаанымсахтар хаар түстэҕинэ хам тоҥууһулар. Хохуол дьоно хотторон хам барыыһылар. Сааҥсыйа биллэрэн сааммыт дьон ,сатарыйан барбыттар. Хохуолу уруйдаабыттар хоргуйан эрэллэр.
Хотторуу буоллаҕына хохуоллар тойоннорун, бэйэлэрэ дьаһайыыһылар.  Аан дайды үрдүнэн Арассыыйа эрэ арбаныыһы!

Доом сүлүгүр!

Ородьумаан

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 15:46

Биһиэхэ , Сунтаар Уһун-Күөлүгэр бэрт дьээбэлээх , бэһиэлэй дьоннор аҕыйах сыллаахха диэри баар буола сылдьыбыттарын туһунан , өссө сорохторо билигин биһиги аттыбытыгар сылдьан кэпсээн-ипсээн көрө-көрө “сатарытан” күлэр , дьон санаатын өрө көтөҕөр , тарбахха баттанар ахсааннаах дьоннорбут тустарынан тэттик -кэпсээннэри истибиппин суруйан кэпсиэм.

Бастакы түгэн.

Бэрт өрдөөҕүтэ , Ефремов Бииктэр оҕонньор сүүрбэ сыл анараа өттүнээҕи кэмҥэ , “Бочооной” үрэҕэр сылдьан кэпсээбититтэн.

1955 сыллар саҥаларыгар , күһүн баччаларга холкуос саламтатын сорудаҕынан “түүлээххэ” диэн дуогабардаһан , “булчут үөрэнээччитэ” диэн ааттаах , табаннан көлөлөнөн , сүүрбэтин туола илик бэрт эдэр киһи ыраах “Бочооной” үрэҕэр бултаһа тахсар.

Манна наставнигынан бэйэтин лаппа кыанар , булка улахан дьаныардааҕынан , байанайдааҕынан биллибит , кытаран-наҕаран бэрт толуу көрүҥнээх , сирэйин олоруута кавказ омукка майгынныыр , сүүрбэ биэс саастаах , бэйэтин түөлбэтигэр кытыгыраһынан баппатах уонна ууһутунан аатырбыт , оһуохай-олоҥхо тылынан хоһуйан элбэх дьон кутун-сүрүн туппут , норуокка биллибитинэн Олой - Ньукулай диэн ааттаах киһи эбит.

Бастакы күннэргэ наставник- Ньукулай уолун сырыһыннара сылдьан хайдах тииҥнииргэ үөрэтэр-такайар. Маннык сылдьаннар арай… биир улахан үрүйэ төрдүн хаҥас сирэйигэр эһэ арҕаҕар кэтиллэ түспүттэр. Сатаатар ыттара ыраах ханна эрэ тииҥ суолун тиҥсирийэ сылдьар кэмнэрэ курдук буолан тахсыбыт. Көрдөхпүнэ арҕах айаҕа аҥайан улахана , хаара… кырыалаах курдуга… устунан уордаах эһэ часкыйбытынан субу ойон тахсан иккиэммитин тырыта-хайыта тыытан кэбиһиэх курдугун ойуулаан көрөн , саллан олох букатын куттанан кутуйах иинин кэҥэтэн , ханан куотарбын көрүөлээн киирэн бардым… диир. Өссө сөҕүөн быатыгар: киһитэ туоһапкатын санныгар сүкпүтүнэн , тоһоҕоҕо майгынныыр мас ылан арҕах үөһээтинэн дьөлүтэ сууралаан аһаҕас оҥорбут.Кэл манна , диэн илиитинэн өссө сапсыйан ыҥырардааххын… диэн…

Табатын миинньибитинэн Бииктэр уол куттанан , саллан киһитин диэки мээнэннэн көрөн баран олорбут. Салгыы киһитэ олох даҕаны сыгынньахтанан , таба тириитэ саҥыйаҕын тэбээн баран арҕах аҥайар айаҕар бүөлүү быраҕан баран харытын ньыппарынан , аҥаар илиитин дьөлөҕөһүнэн уган булкуйан киирэн барбыт!

Туох ааттаах кыыла саһан сытарыҥ буолла… атыыр бэрдэ буолаҕын дуу , дьахтар ааттааҕа сытаҕын дуу… диэн саҥа таһааран ыйытара үһү. Киһитэ туттара-хаптара холкутуттан эбитэ буолара дуу , тоҕо эрэ Бииктэр куотан хаалбатах: айаҕын атан , далбааран төһө өр олорбутун өйдөөбөт… арай Ньукулайын көрбүтэ кэмниэ- кэнэҕэс туран таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ: дьэ , нохоо… саллыы улахан аарыма кыыл утуйа сытар эбит , тыас хомунан арааһа дьаадьыйан биэрииһибит… диэн тутан-хабан , бигээн , кэмнээн көрбүт киһи курдук туттан-хаптан туран эппит. Онуоха: саатар эрэ диэн , саҥата суох сөбүлэһэн “кэҕис” гыммытым быһыылааҕа диэн кэпсээбитэ…

Билиҥҥи өйдөбүлүнэн уол букатын “умайан” хаалбыт киһи , бултаан киириэхтэригэр диэри Ньукулайын “кумир” оҥостон , ураты хорсун киһиннэн ааҕан , кини тылыттан тахсыбакка сылдьыбыт буолуохтаах диэн саныыбыт эрэ.

Дьиҥинэн дьээбэрэн былырыыҥҥы “оҥкучаҕы” бигэтэлээн көрбүтүн туһунан Бииктэр олох кэлин билбитим диэн күлэ-күлэ кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппыт. Ол сахтарга даҕаны буолуохтаах , Ньукулай “Уһун-Күөл” синньиир сиринэн , ол аата билиҥҥи билииннэн (300м) ыраах сири , күөлү туоратынан 3-4 тэ эрэ күөрэйэн көстөн ыла-ыла умсан , харбаан туораталыыра үһү!
Ол өрдөөҕү үйэ аҥаарыттан ордук кэмтэн ыла оннук “мэниктиир” киһи оччоттон-баччаҕа диэри биһиэхэ Уһун-күөлгэ көстө илик.

Ньукулай кэлин сааһыран баран: оннук этим , маннык этим… диэн хаһан даҕаны бэйэтин туһунан кэпсэммэтэҕин биир бэйэм үчүгэйдик билэбин , оннук даҕаны этэ…

Иккис түгэн.

Сэттэ уонус сыллар… эмиэ “Бочоонойбут " үрэҕэр сайын от саҕана… диэн Балантыын Ньукулаайабыс (бастакы түгэн Ньукулайын улахан уола) кэпсиир: Балыыҥка- Сэрэппиин диэн Тойбохой киһитин кытта “Доҕооной” үрэҕин өттүгэр , Татаартан тахсан сир хаама сырыттыбыт. Былааммыт диэн киэҥэ-куоҥа: “Мааса бадарааннааҕа” үрүйэтин өрө сыыйан тахсан , салгыы “Доҕоонойго” түһэр любой үрүйэ баһын хабан ылан , ону батан , улахан үрэҕи өҥөйөн кэлээһин быһыылааҕа… Киһим хара өҥнөөх ыттаах. Дьэ ноко , ыккын эрэ көрө сырыт… кутуруга эйэҥэлээтэ даҕаны “берегись”, тайах биһиэнэ… диэбит курдук миигин дьаһайан кэбистэ. Балыыҥкам кэнниттэн атынан хаамтаран иһэбин , төһө өр буолбуппут эбитэ буолла… арай киһим ыппыт… диэбитигэр көрбүтүм кырдьык ыт аттыбытыгар суох… ханна барда…? Дьэ , киһи бөҕөтөҕүн дии , биир ыты кыайан көрбөккүн… диэн улаханнык сэмэлэнним.Саҥа-иҥэ мэлийдэ , киһим кэнниттэн иһэн арай көрдөхпүнэ хайдах эрэ төннөр курдукпут дии санаатым даҕаны таспар таһаарбаппын , баран иһэбит.
Чочумча буолаат үрэх түһүүтэ кэллэ , нөҥүө сирэйэ ыраахтан көҕөрөн көһүннэ. Оо , “Доҕооной” эбэ хотун! Нэлэһийэн , хотоһуйан тоҕо даҕаны сүргүнүй!… диэн , хайдах эрэ хоһооҥҥо хоһуйалларын курдук саҥа аллайбыппын өйдөөбөккө даҕаны хааллым. Аллараа түһэн , мастар быыстарынан өйдөөн көрбүппүт арай… арай эмиэ маска былаах ыйанан турара көһүннэ!
Хайдах , хайдах баҕайыный… хантан былаах кэллэ… диэн киһим үрүт үөһэ кутан бэйэбиттэн ыйытар курдук ботугураа да ботугураа буолар. Дьэ , онтон өйдүү түстүм: били Татаарбытыгар баар “аэропорт” былааҕын!
Олох даҕаны мааҕыан , сэрэйэ санаабытым курдук төттөрү иэҕиллэн оттуур ходуһабытыгар төннөн кэлэн турар эбиппит! Били , хара ыт кутуругун эйэҥэлиирэ эрэ , туох эрэ… үрүйэлэрбит сыыйыылара барыта хааллаҕа дии…
Дьэ , нохоо… улахан кыбыстыылаах балаһыанньаҕа киирбиппит… дьоммутугар кэпсээбэтиҥ ордуга дуу… хайдаҕа дуу… диэн киһим олох даҕаны аны көрдөһөр курдук этэр.
Били мааҕыан сэмэлэммиппин , киэҥ-куоҥ былааннарбытын саныы-саныы , нэлэһийэн , хотоһуйан тоҕо да сүргүнүй дии… дии иэрийэ-иэрийэ уҥа-таала баран сиргэ төкүнүйэ сылдьан дэлби күллүм… онтум быыһыгар: сөп-сөп , өйдөөтүм… дьоммутугар кэпсиэм суоҕа… диэннээххин.

Ааспытын кэннэ кэлин толкуйдаатахха сүрэҕэлдьиир ат мэлдьи дьиэтин , отуутун диэки төттөрү ырааҕынан эргийэн төннө сатыыр идэлээх буолааччы. Балыыҥка- Сэрэппиин ата эмиэ оннук “сүрэҕэлдьээн” төннөн кэлбит буолуон сөп…

Үһүс түгэн.

Уонча эрэ сыл анараа өттүнээҕи кэмҥэ.

Күһүн түүлээххэ тахсаары , атырдьах ыйын бүтүүтэ түөрт буолан: икки бырааттарым Даниллаах , Дима , эмиэ Һааска Баабылап уонна мин , “Бочоонойбутугар” аттарга анаан оттуу таҕыстыбыт. Уолаттарбыт сүүрбэлэрин эрэ саҥа ааспыт , ону-маны билэ-көрө сатыыр мэник саастара буоллаҕа.

Аара айаннаан иһэн “үрэх-талах” үһүйээннэрин үлүннэрэн соҕус уолаттарбытыгар кэпсэтэлээн улахан болҕомтолорун тартыбыт быһыылаах. Хаһан эрэ Татаарга , Кураска уонна Кээттигэ тиийэ охсобут диэн саҥалаах дьон буоллулар.

Улам ыраатан истэхпит аайы уолаттарбыт бөһүөлэктэн тэйбиттэрин өйдөөннөр , саҥалыын-иҥэлиин уларыйдылар , боччумуран ылбыкка дылы буоллулар…

Дьэ , нохолоор… мантан инньэ ачаалыыр ийэ-аҕа аттыгытыгар суох. Ыраах үрэххэ , остуоруйаҕа эрэ кэпсэнэр курдук “эһэ-бөрө” дойдутугар баҕа өттүгүтүнэн айаннаан иһэргитин өйдүүр инигит , диэн уолаттарбытын хаадьылыыбыт.
Дима ата нэс баҕайы , кэнники ыраах баҕайы хаалар үгэстэннэ.Атын соруйарын даҕаны сүрэҕэлдьиир быһыылааҕа.

Сэргэлээх үрэҕин туораары аттарбытыттан түһэн нэс аттаах уолбутун көһүтэбит. Уолбут тиийэн кэлбитигэр киксэн баран: аккын соруйан иһиий , дэһэбит… истибэт буолбат дуо , таһыйа сатыыбын даҕаны… дьэ , ону эн иһитиннэрдэххинэ эрэ сатанар , тоҕо диэтэххинэ баҕар , уҥа-хаҥас өттүбүтүнэн биллибэтинэн эһэ , бөрө сырсан иһэрэ буолуо. Соҕотох хаалан истэххинэ эмискэ саба түһэн , “сап” гыннаран ыллахтарына даҕаны көҥүл… оччотугар биһиги эйигин хантан көрөммүт өрүһүйүөхпүтүй… дэһэбит.

Үрэҕи кэстэрэн этэҥҥэ туораатыбыт. Мантан ыла “нэс” аттаах уолбут ортоку эрэ сылдьар буолан хаалла.

Нөҥүө күнүгэр “Татаарбытыгар” тиийэбит. Онтон-мантан хомуһан , урут маска ыйаталаабыт хотуурдарын булаттаан , өрөмүөннээтэх буолан баран уолаттарга
туттартаан кэбистибит. Киэһэлик биһиги кэпсээммитинэн сүүһүнэн көҕөн төрөөн сытар , ат адаҕатын саҕа соболоох “Тобох” күөлүгэр Дималыын кустуу диэн бардыбыт.

Уолум саата суох , кус хомуйааччыннан диэн илдьэ барааччы буоллум. Һааскалаах Дайыыл мас көтөрдүүбүт диэн дьиэ таһынааҕы ойууру кэрийэллэр.

Биһигиттэн күөлбүт чугас 2-3 эрэ биэрэстэ сиргэ баар. Урукку кэмнэргэ “Тойбохойдор” тахсан аҥаардас илииннэн оттуур ходуһалара этэ. Билигин киһи ахтатын быдан ааһар адарааҥкы , аҥхай өлүү буолбут. Уһун , хойуу сөкү от үүммүтэ хагдарыйан , кинигэҕэ суруллар , киинэҕэ көстөр- күннээх Украина бааһыналарын араҕас сэлиэһинэйдэрин санатар.

Биир айах , куһаҕан-иһэҕэн диэбит курдук саалаахпыт. Аҕыйах сыллааҕыта Боппуок Куола сэттэ көҕөнү биирдэ “ньимси” биэрэн кэбиспиттээх , бу диэккинэн киирэн уонна субу сааннан диэн уолбар кэпсиибин. Үөскэ киирэн истэхпит аайы дулҕата үрдээн , ото уһаан , отойдуун даҕаны иннибитигэр туох баарын көрбөт буолан хааллыбыт.Дулҕа үөһээ тахсан көрүөҕү хамсыы турар буолан кыаллыбат эбит.Биирдэ эбит уолбар өйөтөн , өҥөйтөлөөн , онон хайысхаланан күөлбүтүгэр чугаһаатыбыт.Тыал утары үрбүтүгэр муннубутугар кус иигин-сааҕын сыта биллэн барда!

Арай… кыра көлүччэ курдук , от быыһынан көстөн эрдэҕинэ эбит ээ…кынат тыаһа сип-сирилэс , “маат-куут” бөҕөтө буолан баран били кэпсэнэр көҕөттөрбүт тохтоло суох көт да көт буоллулар! Биир мүнүүтэ устата , тохтоло суох кынат тыаһаабытынан сылыктаатахха кырдьык сүүһүнэн көҕөн быһыылааҕа. Ыксаабыта буолан аттыы-аттыы көлүкэни “өҥөс” гыммытым кураанахтаммыт , кытыытынааҕы дулҕалар тэпсиллэн , дэлби харааран хаалбыттара көһүннүлэр. Бастакы көппүт кустар субуруһан , төннөн кэлэн үрдүбүтүнэн ааһан киирэн бардылар. Чахчы бары көҕөттөр!
Кэннибэр хаалан иһэр уолбар омуннаахтык хаһыытыыбын: хаптайан баран олор , быгыалаама…хайаама!
Көҕөттөрүм иккилии-үстүү буолан тохтоло суох кэл да кэл , аас да аас буолаллар.Дьэ , эр-рээ… күөрэтэлииргэ оҥостон , ытыалаан киирэн бардым.Начаас икки ардыгар сүүрбэ ботуруоммун “уубар-хаарбар” киирэн , устунан собуоттанан хаалбыкка дылы буолан , бүтэрэ охсон кээстим.

Бу тухары арааһа 6-7 көҕөнү түһэрдим , уоннааҕытын сыыһан ыыталыыбын.

Нохоо , Димаа-а… көрдүҥ дуо… ханан , ханан түспүттэрин… ботуруонум бүттэ…

Уолум: хантан көрүөхпүнүй , быгыалаама диэбитиҥ буолбат дуо… диэн хата бэйэбэр төттөрү бааһар…

Сытыы харахтаах , сэргэх уол буоллаҕыҥ… чэ , кэл… кустарбытын көрдүөх , 6-7 көҕөн түстэ быһыылаах диибин даҕаны , субу саманан түспүттэрэ диэн отой даҕаны чуолкай “ориентир” суох буолан таҕыста…
Хайа баар кустаргын этэҕин , миэхэ ыттарыаҥ этэ буоллаҕа дии…элбэх куһу көрөҥҥүн “алааран” хааллыҥ ини… диэн аны уолум бэйэбин кыайан киирэн барда.Бэркиһээн даҕаны хайыахпыный , саҥата суох онон-манан көрдүү сатаатыбыт даҕаны , биир даҕаны куһу булбатыбыт , кураанаҕы кууспут аатыран , көҕөн кус киитэрэйин , өҥө “защитно -маскировочнай” буоларын , оннооҕор субу өлөн иһэн даҕаны саһар диэн , мээнэ үөрүйэҕэ суох киһи булбатын туһунан… бэрт элбэҕи , уолбун уоскутаары , бэйэбин буруйданан кэпсээбитим быһыылааҕа.

Дьиэбитигэр уолум уруттаан , мин хаалан , малыйбыт дьоннор “уку-суку” айаннаан тиийдибит. Ботуруоммун барытын ытыалаан кэбиһэн Һааскабыттан мөҕүлүннүм.Эбиитин 6-7 көҕөнү ытан түһэрбитим туһунан ааҕааччым… эн эмиэ саарбахтыырыҥ курдук , олох даҕаны көрөн турбут туоһу суоҕунан ааҕыллыбата , “сотуллан " хаалла. Чэ , буоллун: кылаабынайа “процесс” барбыт диэбит киһиэхэ дылы…

Ити кэнниттэн үс-түөрт хонук ааста. Үрэх дьиэлэрин кэрийэн оттоон бүтэн эрэр кэммит буолла.Аһылыкпыт чааһа мөлтөөн , ботуруоммутун ааҕа-ааҕа “эккэ” эрэ ытар балаһыанньа тирээтэ. Миигин чугаһаппаттар , халлааны “тууккалаабыт” киһини…

Данил Курас көлүкэлэриттэн икки биргинэҕи бултаабыта даҕаны кыайан ханыылаабакка киэһэ күөстэнэн аһаан эрэбит.Миин буһа турар.Аһаарыбыт остуол тула олорбуппут кэннэ Һааска миэхэ хараҕынан “чып-чык” гынан баран: мииммит эмиэ сахсырҕа сааҕынан туолбут…бирээминэ маҕан мааннай куруппаны кутан кэбиспит курдук… сатана дьиэҕэ хараҥа буолан кустарбытыгар саахтаабыттарын көрбөккө хаалбыппын… ото син миинтэн холбуйа сатаатым ээ … диэн буруйдаммыт курдук туттар - хаптар.Уолаттар аһаары-сиэри салбанан , луоскаларынан ырыа матыыбын тоҥсуйан , киҥинэйэн ыллыы олорбуттара… ээ суох , биһиги миин испэппит, пахай даҕаны…фуу…өөх… дэстилэр. Аҥаардас лапсаны буһараары туһунан күөстэнии буолла. Биһиги , кырдьаҕас “бор” дьон аатыран биирдии куспутун “эмэр” буоллубут , сэлиэйдээх миини ыттарга иһэрдиэх кэриэтин бэйэбит мэҥиэстэбит диэн буолла. Кырдьаҕастар аһаан бүтэрбитин кытта аны уолаттарбыт лапсаларын сиэн сыпсырыйаллар.Ноколоор , күһүн буолбут , от-мас хагдарыйан эрэр кэмигэр сахсырҕа баар этэ дуо? Хайа көтө сылдьалларый… диэн ыйыппыппар , дьэ өйдөөннөр күлүү-үөрүү бөҕө буоллулар. Итинник дьээбэрэн эһигини айылҕа уларыйыытын кэмнэригэр ураты болҕомтолоох буоларгытыгар өйдөтөр үлэни ыыттыбыт… чэ , тоҕойуом , кэлэн аһаа… мииниҥ сойбута буолуо диир ийэҕит манна суох… дии , дии күлэр , Һааска.

Нэдиэлэ курдук сылдьан баран , дойдуга киирэрбит саҕана 2-3 күн устата ардах түһэн , аара суолга дэлби сытыйбыт-ымыйбыт да буолларбыт , уолаттар хата дэлби астынан , “бэчэтилиэнньэ” бөҕөтө буолан киирбиттэрэ.

Ээдьик. Уһун-Күөл.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 16:14

ОЛОХ КӨСТҮҮЛЭРЭ

Аһаабыт иһитигэр кулгуйбут… 🍛

6 НОЯ 2021
TUYMAADA

(Эдэр дьахтар кэпсээнэ)

Кыракый, уһук дэриэбинэҕэ хоп-сип быһый атахтаах буолааччы. Ким тугу саҥарбыта, ким диэки көрбүтэ түргэнник кэпсэлгэ киирэрэ.

Арамаанаптар уоллара Уйбаан ситэн-хотон, үс сыл аармыйаҕа сулууспалаан дойдутугар кэлбитэ. Саҥа кэлбит киһи киэһээҥи кэпсээн, сарсыардааҥы сонун буолара. Кыыс-аймах ымсыырбыттыы батыһа көрөн хаалара.

Уйбаан дэриэбинэ “кэрэ куотун” Кээтиини кэрэхсии көрбүтэ. Кээтии оскуоланы саҥа бүтэрэн, сайылыкка ньирэй көрөрө. Сиртэн-буортан тэйбит курдук кыыс. Хап-харанан чоҕулуччу көрдөҕүнэ хайа баҕарар уоланы умсугутар. Уһун суһуоҕун өрөн баран намылыччы түһэрэн, синньигэс биилинэн “оонньоон” хааман курбалдьытара көрүөххэ кэрэтин. Күлэн лыҥкынатарын киһи истэн олоруох курдук. Өрүү үөрэ-көтө, сырдыгынан сыдьаайа сылдьар кыыс. Үлэтин да кыайа-хото тутар. Сайын. Айылҕа муҥутаан сиппит кэрэ кэмэ. Ама ким ыллаабат-туойбат буолуой, бу кэмҥэ!

Арай биирдэ үлэ кэнниттэн Кэрэ Кээтии тыанан быһалыыр суолунан ыллыы-ыллыы хааман-сиимэн истэҕинэ, эмискэ иннигэр саллаат Уйбаан баар буола түстэ. “Кэпсэтэ түһүөххэ”, – диэн кыыһы тохтотто. Тыа саҕатыгар олорон буолары-буолбаты кэпсэппитэ буоллулар. Хайа-хайалара да айахтара кыайан аһыллыбата. Эмискэ Уйбаан кыыһы уураан ылла. Тэрэгэр түөһүн имэрийдэ. Сыллаата, уураата. Кыыс утарылаһа сатаата да… Күөх окко тиэрэ баттаан, мүччү-хаччы, иккитэ-үстэ түллэх-түллэх гынан сиэмэтин түһэрэн, били “тэрилэ” ньалбас гына түстэ. Биир кэрэ тыл этиллибэтэ. Саатар бүтэн баран сыллаабата, уураабата. Ыстаанын тардынаат, куотар аакка барда. Кээтии кэлэйэн, саатан ытаата-соҥоото.

Арыый уоскуйан, айанын суолун тутта. Арбы-сарбы көрүҥнээх киирбитин көрөн ийэтэ: “Ыарыйдыҥ дуо?” – диэтэ. Кыыс хоһугар киирэн сытта, устунан утуйан хаалла. Сарсыарда эрдэ туран өйүөтүн ылан сайылыгар барда. Ити кэнниттэн Уйбаантан тэйиччи сырытта. Уйбаан үрэх баһыгар оттуу барда.

Күн-дьыл ааһара түргэнэ сүрдээх. Кээтии биллэ-көстө сонообут курдук буолла. Дьахталлар обургулар билэ охсон: “Ким оҕо оҥордоҕой?” – диэн таайа сатыыллар… Ийэтэ барахсан кыыһын куоттаран, куоракка эдьиийигэр ыытта. Кээтии үлэтин бэйэтэ солбуйда. Ол солбуйа сылдьан сүрэҕэ ыалдьан балыыһаҕа киирдэ. Атын ньирэй көрөөччүнү биригэдьиир булла.

Кээтии икки ыйдаах бэрэдэбиэс курсугар үөрэнэн, ас маҕаһыыныгар атыыһыттыыр. Эдьиийинээн иллээхтик, эйэлээхтик олороллор. Болдьоҕо кэлэн кыыс оҕону төрөтөн декреккэ олорор. Күнэ-ыйа кыыһыттан тахсар. Кыыстарын эбэтин аатынан Намыына диэн сүрэхтииллэр. Үкчү ийэтин көрбүтүнэн төрөөбүт.

Биэс-алта сыл ааһар. Кыысчаан улаатан иһэр. Кэрэ Кээтии үүнэн-сайдан, маҕаһыын сэбиэдиссэйэ буолар. Кыыс оҕо саадыгар сылдьар. Эдьиийэ Ирина бэйэтин оҕотун курдук биэбэйдиир, таптыыр. Биирдэ да Уйбааны санаан ааспат. Кэрэ Кээтии биир хостоох таас дьиэни куортамнаан куорат киинигэр олорор. Кыыһа Намыына үксүн эдьиийигэр олорор.

Сыл – хонук. Кээтии номнуо 33 сааһа буола охсор. Биирдэ холодильнига үлэлээбэт буолан, маастары ыҥырар. Аан звонога тыаһаабытыгар аанын аспыта – эдэркээн уол кэлэн турар. Холодильнигын оҥорон бүтэрэр. Туох имнэммитэ буолла? “Чэйдээн бар”, – диир. Уол үөрэ-көтө аһыыр. Мичил диэн ааттаах эбит. Кээтии көрөөт да уолу сөбүлүү санаата. Мичил да маннык кэрэ бэйэлээҕи өссө көрө илик. Хайдах эрэ санаатыгар кэрэ Кээтии киирэ турар.

Уонча хонук ааспытын кэннэ ыкса киэһэ звонога тырылыы түстэ. Көрбүтэ Мичил улахан сибэкки дьөрбөтүн тутан мичээрдии турар эбит. Киирээт букетын Катяҕа туттарда. Иэдэһиттэн “чоп” гына уураан ылла. Катя остуолга ыҥыран, атах тэпсэн олорон үөрэ-көтө кэпсэттилэр. Мичил тулаайах, уолаттары кытта уопсайга олорор эбит. Үрдүк уҥуохтаах, куудара баттахтаах, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах. Иккиэн да бэйэ-бэйэлэригэр наһаа барсаллар.

Дьыбааҥҥа олорон Мичил Катяны кууһан, уохтаахтык уураан ылла. Ону эрэ кэтэспит курдук Катя ахтыбыттыы имэҥнээхтик уураата. Иккиэн ийэттэн төҥүү ньылбы сыгынньахтанан имэрийсэн-томоруйсан, Катя үөһэттэн алларааҕа диэри уураан, имэрийэн, уол эдэр киһи көҕүйэн, имэҥ-дьалын оонньуутунан уохтара харыар диэри, тохтуу-тохтуу уҥа-таала таптастылар. Устунан Мичил хоно хаалла. Харахтарын симэн-көрбөккө таптастылар… Айылҕаттан айдарыылаах дьон буолан биэрдилэр…

Кээтии Мичил барбытын кэннэ Уйбаанын санаан ылла. Күөдүлгэхтэнэн кини таптала диэн… Таах-сибиэ эбит. Үчүгэйэ диэн бэйэтин курдук кыыстаннаҕа. Ол дьолу Уйбаан билбэт. Кинилиин сылдьыбытыттан олус кэлэйэр. Ханнык да дуоһуйуу суох этэ.

Ыкса киэһэ үлэ кэнниттэн Мичил тиийэн кэллэ. Бу сырыыга ахтыбыттыы Катя урут уураата. Эт-хаан бырааһынньыга саҕаланна. Тапталы билбэтэх киһи дьоло суох буолар. Баай-дуол, үөгүлүүр үп диэн күдээринэ күүрээн. Киһини эдэригэр түһэрэр, доруобуйаны тупсарар таптал…

Сэттэ сыл дьоллоохтук олороллор. Мичил оҕолонуон баҕарар да, оҕо суох. Катя улахан тымныйыылаах эбит. Кэнники бириэмэҕэ Мичил дьиктитик уларыйда. Тыл тылларыгар да киирсибэт буоллулар. Мичил биир киэһэ эттэ: “Катя, мин биир кыыска оҕо оҥордум”, – диэн. Оччолооҕу истэн баран Катя сээкэйин хомуйан: “Бу дьиэттэн бар, уонна отой төннөн кэлимэ”, – диэтэ. Мичил барымаары гынар, кыыһырда: “Миэхэ эдэр наада, эн кырдьаҕаскын”.

Ити тылтан Катя наһаа хомойдо, кэлэйдэ. Хантан кырдьаҕас буолуой? Түөрт уон саастаах кэрэ дьахтар. Билигин да Мичилин таптыыр, ахтар. Оҕоломмуттара буоллар төһө эрэ дьоллоох буолуо этилэр. Олох – уустук. Күөх хонууну туорааһын буолбатах.

“Эдэрдэр тапталгытын харыстааҥ!” – диэн Кэрэ Кээтии сүбэлиир. Сураҕын иһиттэҕинэ, ол оҕолообут дьахтара “Кыыс Кыскыйдаан” үһү. “Кэрэ Кээтии” курдук дьахтары көрдөөн да булбаккын.

Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 17:13

Кырдьан баран кылыыһыт буолан. ..

 “Эһиги хаһыаккытыгар бэйэм олоххо көрсүбүт балаһыанньабын кэпсээн, баҕар мин курдук дьыл­ҕалаах киһи баара буолуо диэн эйиэхэ сибээскэ таҕыстым”, – диэн билбэт эр киһим суотабайбар төлө­пүөннээн, кыаллар буоллаҕына, хаһыакка суруйарбар көрдөстө. Тута сөбүлэстим. Киһибин кытта көр­сөн кэпсэттибит. Бастаан кыбыстыах курдук туттан иһэн, кэпсэтиини сэргэхтик саҕалаабыппар, тута аһылла түстэ.

 

 

Остуоруйаҕа майгынныыр көрсүһүү

 

   Ньукулай: “Чэ, бу курдук… Дэ­риэбинэҕэ олоробун. Кэргэннээхпин, оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Дьиэ-уот, тиэхиньикэ – барыта баар. Оҕолорум бары ыаллар.

   Саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык. 201… сыл атырдьах ыйыгар маҥнайгы тапталбын 40-ча сыл буолан баран көрсөммүн, хараарчы иирэн хаалбытым. Оччолорго 1968 сыллаахха хоту улууска баран биир сыл 8-с кылааска үөрэнэ сылдьыбыттааҕым. Ол үөрэнэ сылдьан Аанчыкпынаан билсибитим. Кини онно 7-с кылааска үөрэнэр этэ. Биир сыл үөрэнэн баран, дойдубар кэлэн орто оскуоланы бүтэрбитим. Аанчыкпынаан ол кэнниттэн 6 сыл тохтоло суох суруйсубуппут. Быыһыгар аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим. Онтон 1974 сыллаахха кини кэтэхтэн үөрэҕин бүтэрэ Дьокуускайга кэбитэ. Онно көрсүһэммит “аналым бу сылдьар эбит, кэргэн ылабын” диэн санаалаах ыһыах кэмигэр түбэһиннэрэн төрөппүттэрбэр билиһиннэрэ таһаарабын. Дьүөгэтин илдьэ тахсыбыта.

   Арай кыыһым тугу эрэ этээри гына-гына эппэт. Чугаһыыр, булумахтанар, саҥарбат. Кини миигин олус таптыыр этэ, мин таптыырын сэрэйэбин. Мин эмиэ таптыыбын. Ол эрээри оччотооҕу ыччат иитиллиибит да оннук буолуо, тапталбытыгар аһаҕастык билиммэппит, эгэ, хоонньоһор кэлиэ дуо… суох буоллаҕа. Ол тиийбит күммүтүгэр дьүөгэтэ: “Аанчык кэргэн тахсыбыта ээ”, – диэтэ. Мин ону бастаан өйдөөн истибэтим. “Туох диигин?” – диэн иккистээн ыйыттым. “Иһиттиҥ дии, тугу өссө ыйытаҕын?” – диэн буолла. Истэн баран, санаам дэлби түһэн хаалла, ол киэһэ саппаҕырбыт санаабын арыгылаан сайҕанааччы буоллум.

 Кыыһым кулун тутарга сыбаайбалаабыт, ыам ыйыгар кэтэхтэн үөрэнэ кэлэн баран, миэхэ этиэхтээҕин кыайан эппэккэ сылдьыбыт. Бу кэлин кэпсэтэрбитигэр: “Эйиэхэ эппэккэбин олохпун көннөрө сатаабытым”, – диэхтиир. Сарсыныгар туран өйдөнөммүн, иккиэннэрин “Ракетаҕа” атаара киирдим. Ити тухары тугу да быһаарсыбаппыт, кэпсэппэппит да.

   Суох, киниттэн кэлэйбэтэҕим. Оннук күүскэ таптыыр этим. Ол кэнниттэн мин кинини хаһан да умнубатаҕым, көрсүбэтэҕим. Кыыһым ол курдук дойдулаабыта. 1974 сыл сайына биһигини букатыннаахтык араарбыта. Ол сайын түүл-бит курдук сылдьыбытым. Сүрэхпэр өтөрүнэн оспот баас иҥэн хаалбыта. Сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан сыдьыбыт ыраас дьон буоллахпыт. Эгэ, сыллаһар-уураһар, куустуһар кэлиэ дуо… Наһаа да көнө эбиппит. Оннук ыраас иэйии кэнниттэн итинник күүстээх охсууну ким тулуйуой…

   Иһэ-аһыы сылдыбытым. 30-тан тахса сыл усталаах туоратын тухары хотуттан, кини дойдутун дьоно кэллэхтэринэ, наар сэгэртэйбин – Аанчыкпын сураһан эрэй бөҕөтүн көрөр этим. Ыйыттахпына, “үчүгэйдик олорор, кэргэннээх, оҕолордоох” дииллэр. Ол тухары сүрэҕим уоскуйбат, син биир дууһам кинини көрдүүр.

 

Соһуччу сурах эрэли үөскэппитэ

 

   Онтон биир үтүө күн хоту бииргэ үөрэммит кыыспыттан алҕас соһуччу сонуну истэммин, утуйар уум уу буолбат, аһыыр аһым ас буолбат буолла. Ити – 2010 сыллаахха этэ. Күнүм-ыйым оҕото, Аанчыгым кэргэниттэн арахсыбыта 20-чэ сыл буолбутун истэммин, сүрэҕим бааһа аһыллан, урукку иэйиим эмиэ төттөрү эргилиннэ.

   Тоҕо мин тапталым Орто дойду олоҕор соҕотоҕун сылдьыахтааҕый? Абам да баар эбит… Миигинэ суох 20 сыл соҕотоҕун олорбутун билбэккэ сылдьыбыппын диэн, аны туран мин айманыы бөҕөтө буоллум. Сүрэҕим бааһа аһыллан, мэктиэтигэр, хаанынан оҕуолуур курдук. Бииргэ үөрэммит кыыспыттан дьиэтээҕи төлөпүөнүн нүөмэрин ыламмын биир үтүө күн киниэхэ эрийдим. Тапталлааҕым са­ҥа­тын истэммин бэйдиэ бара сыстым, салыбырас буолуохпар диэри долгуйдум.

 Ааппын эттим, киһим бастаан өйдөөбөтө, “кимҥиний?” диир. Аны билэн баран соһуйда аҕай, туох да диэн булбата. Быыһыгар бөтө-бөтө саҥара сатыыра иһиллэр. Икки өттүттэн балачча саҥата суох сыҥсыйарбытын эрэ билэбит. Мин да киниттэн хаалсыбатым. Инньэ гынан толору харах уулаах олорон кэпсэттибит. Кини наһаа долгуйарыттан буолуо, тугу да кыайан саҥарбат буолан хаалбыта. Миигин эрэ төлөпүөннүө диэбэтэх быһыылаах. Киниэхэ да соһуччу буолуо. Бачча сыл тухары өйүттэн-санаатыттан сүтэрэн кэбистэҕэ дии.

   Мин киниэхэ: “Эйигин наһаа таптыыр этим, билигин да таптыыбын”, – диэтим. Кини эмиэ сүтэрбит сылларын тухары миигин эрэ таптыы сылдьыбытын, дьэ, аһаҕастык билиннэ. Суотабайын нүөмэрин биэрдэ. Дьэ, мин онно эрэ биллим суотабай төлөпүөн хайдах курдук күндүтүн. Ол күнтэн ыла күн аайы кэпсэтэр буолбуппут. Саатар, биһиги кытыы дэриэбинэбитигэр суотабай сибээс тиийбэт. Үөһэ хас эрэ миэтэрэ үрдүктээх сиргэ ытыннахха биирдэ, тапталлааххын кытта кэпсэтэн дьоллоноҕун.

 

Олоҕум саамай дьоллоох түгэнэ

 

   Арай, доҕоор, аан аһыллаатын кытта көрбүтүм – кини бу иһэр. Мин көрдөхпүнэ, Аанчыгым эт туппут, сонообут, баараҕадыйан хотун хаан көрүҥнэммит. Көрсөөт, долгуйууттан, сүтэрсииттэн иккиэн да саҥарар кыахпыт суох буолла. Харахпытынан эрэ көрсөбүт. Аанчыгым котоку, ытаан бөҕөтө буолар. Мин эрэйдээх тугу да булан саҥарбаппын, кыайан уоскуппаппын. Бэйэм нэһиилэ тулуйан турабын, долгуйуу киэнэ кытаанаҕа. Кини нэһиилэ саҥа таһааран: “Итэҕэйбэккэҕин миигин кыҥнайа-кыҥнайа көрөҕүн дуу?” – эрэ диэтэ. Уонна миигин көрөөт: “Кырдьыбыккын эрээри, өссө күүскэ таптыах курдукпун”, – диир. Сөп ээ, мин үйэм тухары ыарахан үлэҕэ сырыттаҕым. Кини дуоһунастаах үлэҕэ сылдьыбыт, карьератын бэркэ оҥостубут, үйэтин тухары чөл олоҕу тутуспут, дьоно-сэргэтэ ытыктыыр киһитэ.

 Ол сайын үс күн бииргэ буоллубут. Онтон хаалбыт күннэрин атын улууска баар кыыһыгар баран ыалдьыттаан кэлбитэ. Оҕолоругар мин туспунан кэпсээбит эрээри, ыал аҕата диэбэтэх. Оҕолоро истэн үөрүү бөҕөтө үһү. Ийэбит кырдьар сааһыгар утары көрсөн олорон чэйдиир киһилэммит диэн. Үс күн көрсүспүт дьоллоох күннэрбитигэр таптал диэн хайдах курдук күүстээх иэйиитин сүтэрсэ сылдьыбыт сүрэхтэр онно биллибит. Дьэ, кырдьар сааска күүскэ көбөн кэлэр иэйии диэн ити буолар эбит. Киһи тылынан кыайан кэпсээбэт “минньигэс” өйгө-санааҕа хаалар эриэккэс көрсүһүүтэ онно буолбута.

Дойдутугар көтөрүгэр атаара киирбитим. Бараары туран эмиэ “кэргэҥҥиттэн арахсыма, мин ыал олоҕун алдьатыахпын баҕарбаппын”, – дэтэлиир. Онтон киэр хайыһан туран, миигин хайдах курдук таптыырын, миигинэ суох кыайан олорботун билинэр. Инньэ гынан икки өттүттэн айманан ахан араҕыстыбыт. Кинини атаарбыт күммэр халлаантан күнүм туллан түс­пүтүн курдук турукка сылдьыбытым.

   40-ча сыл буолан баран көрсүһэм­мит, иккиэн да уларыйдыбыт. Кинини көрсүөхпүттэн табахпын бырахтым. Өйүм-санаам, олоххо тардыһыым өссө күүһүрдэ. Аанчыгым бу олоххо көрсүбүт саамай күндү киһим буоллаҕа. Сиргэ төрөөн кинини эрэ таптаабытым. Бииргэ буоларбыт эбитэ буоллар, өссө үчүгэй буолуо эбит. Мин билигин кинини санаабытынан утуйабын, сарсыарда чыычаахпын санаабытынан уһуктабын.

 

Булкулла сылдьыбыт кэмнээҕим

 

   Бэйэбиттэн быдан балыс кыыһы улахан таптала суох кэргэн ылбытым. Кини миигин аҥаардастыы таптыыра. Тапталга наһаа эрэйи көрбүт буоламмын эбитэ дуу… сирэ-тала барбатаҕым. Оҕо-уруу, сиэн, хаһаайыстыба – барыта баар. Наар үлэҕэ сылдьыбытым. Кэргэним сааһын тухары сүөһүгэ үлэлээбитэ, тыа хаһаайыстыбатыгар ситиһиитэ элбэх.

  Бэйэм иккис курууппалаах инбэлииппин, акаары санаабар, иһэн-аһаан сылдьыбыт кэмнэрбэр кырбанарым да ханна барыай… Ол түмүгэр доруобуйабар оҕустарбытым. Төрөппүттэрим өлбүттэрин кэннэ арыгыбын тосту бырахпытым.

Билигин олоххо булкуллан баран сылдьабын. Ардыгар ыллым да дьиэбиттэн тахсан, турар бэйэбинэн баран хаалыахпын санаталыыбын. Онтум быыһыгар оҕолорбуттан, сиэннэрбиттэн тардыстан кэлэбин. Миигинэ суох кыайан олорор кыахтара суох. Оччоттон баччаҕа диэри аҕа баһылык оруолун толорон, дьаһайан кэллэҕим. Аанчыкпар: “Холбоһуохха, ыал буолуохха”, – диибин. Ону кини: “Кэргэниҥ суоҕа буоллар, ыал буолуо этибит”, – диэн санаабын манньытар. Эмиэ да кэргэммин аһына саныыбын. Таптаабаппын эрээри, бэйэ-бэйэбитигэр убансан хаалбыппыт. Кинитэ суох мин тэһийбэппин, миигинэ суох – кини тэһийбэт. Аны Аанчыкпын сүтэриэхпин, олохпун салгыы хайдах олоруохпун сатаан санаабаппын.

   Билигин олох мунан, өйүм-санаам булкуллан, өй-сүрэх мөккүөрүгэр санаа кулута буола сылдьабын. Эйиэхэ кэпсээммин арыый санаам чэпчээбит курдук буолла”.

 

Сүрэҕим киниэхэ тардыстар

 

   Аанчык: “Бүтэһигин 1974 сыллаахха сайын көрсүбүппүт. Онтон бу 40-ча сыл буолан баран көрүстүбүт. Идэбинэн үрдүк дуоһунаска үлэлии сылдьыбытым. Үйэм тухары төрөөбүт дойдубар олоробун. Кэргэммиттэн арахсыбытым 20-чэ сыл буолла. Үс оҕолорбун бэйэм иитэлээбитим. Бары ыаллар, сиэннэрдээхпин. Билигин соҕотоҕун олоробун.

   Кэргэним иһэр этэ. Ньукулай көрдөөн булбутугар наһаа соһуйбутум. Бу киһи мээнэҕэ булбатах буолуохтаах, Дьылҕа Хаан иккистээн эмиэ көрсүһүннэрдэ дии санаабытым. Билигин иккиэн ыраах-ыраах олоробут. 1974 сыл бэс ыйыгар көрсүһэрбитигэр мин бэйэм быһаарыам, кэпсэтиэм диэн тиийбитим да, ханна баарый… 20-лээх кыыс оҕо бэйэм муҥкук буол­лаҕым. Оччолорго этиллиэхтээх тыллар кыайан этиллибэккэ икки аҥыы барбыппыт. Кини миигин итинник күүскэ таптыырын билбэт этим. Бастаан көрсүһэрбитигэр долгуйуу бөҕө. Ньукулай кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх киһи. Мин кинилэр олохторун аймыахпын баҕарбаппын. “Бачча сыл тухары ыал буолан олорбут кэргэҥҥин кытта олор” диибин. Кини ону ылыныан, истиэн да баҕарбат.

 Барбаппын диэтэхпинэ, саатар, кэлэн көрсөн барыый диэн көрдөһөр. Иккиэн бииргэ буолуохпутун баҕар­быппыт да иһин, кыаллыа суох курдук. Кини: “Син биир хаһан эрэ баҕа санаабыт туолуон сөп буоллаҕа”, – дэтэлиир. Дьэ, билбэтим. “Ыллым да турар бэйэм дьиэбиттэн тахсан барыам, эйигинэ суох сатаммаппын. Эйигин иккистээн сүтэриэхпин баҕарбаппын”, – диир. Ону мин: “Барытын ыйааһыннаан, ыараҥнатан көр. Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тустарыгар. Манна кэллэххинэ, тугу гыныаххыный, кими да билбэккин. Адьас иэдэйиэҥ. Сайынын манна сырыы суох дойдута, сөмөлүөт эрэ сылдьар. Олор, арахсыма”, – диэн сүбэ кэриэтэ этэрбин дьөрү истиэн да баҕарбат. Олох кэлэн хаал диэхпин эмиэ суобаһым буолбат. Ол эрэн сүрэҕим, кутум-сүрүм өрүү киниэхэ тардыһар курдук.

   Хаалбыт олохпутун эмиэ да бииргэ олоруохпутун баҕарар эбиппин. Икки өттүттэн бачча сыл тухары сүтэрсэ сылдьан баран, иккистээн эмиэ сүтэрсиэхпитин баҕарбат курдукпут. Киһи кырдьар сааһыгар аттыгар таптыыр киһитэ баара үчүгэй буолуо эбит да … Эмиэ да атын киһи олоҕун аймыахпын баҕарбат курдукпун.

   Мин кинини билигин да күүскэ таптыыбын. Оччолорго киниэхэ кэргэн тахсыбытым эбитэ буоллар, итинник иһэн-аһаан инбэлиит буолар турукка тиийиэ суох этэ. Сэгэрим сыыһын наһаа аһынабын ээ. Арыт-ардыгар кини соторутааҕыта эрэ миигиттэн барбыт курдук санаталаан ылабын. Кырдьар сааска киһи булкуллар да буолар эбит… Онон таптал сааһы билиммэт дииллэрин бэйэбинэн, дьэ, билэн итэҕэйэ сылдьабын. Кырдьар сааспытыгар тиийэн, эһээ-эбээ буолан баран, хайа-хайабыт маннык эрэ буолуохпут дии санаабатахпыт. Олоххо оннук диэн баар буолар эбит”.

 

Саргылаана БАГЫНАНОВА

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 17:14

ХАРА БЫЛЫТ

24 июня 2022

Бу түбэлтэни биһиги бырааппыныын эрэ билэбит. Өрдөөҕүтэ буолбута. Оччолорго оскуола оҕолоро этибит. Кэлин улаатан баран, айылҕаҕа эҥин араас дьикти көстүү баар да буолар эбит дии саныыр буолбутум. Оттон ол саҕана айылҕа биир дьиктититтэн сүрдээҕин куттаммыппын өйдүүбүн.

  Биирдэ эһэбит синньигэс тииттэри күрүө баҕаната гынаары сууллартаан, тыраахтарынан состорон аҕалтарбыта. Биир итии күн биһигини, орой мэниктэри, хатырыктыырга соруйбута. Инньэ гынан сытыы күрдьэхтээх, чохороон сүгэлээх эһэлээх эбэбитигэр кэлэммит мас хатырыктыы сылдьыбыппыт. Мас хатырыга үчүгэйдик кэлэр буолан, хаадьылаһа-дьээбэлэһэ, тиритэ-хорута үлэлээбиппит. Арай ол турдахпына, туох эрэ хараҥа кэлэн мин үрдүбүнэн күн сырдыгын сабардаан кэбиспитэ. Өрө хантайан көрбүтүм, кыра хап-хара былыт мин үрдүбэр кэлэн үллэҥнии аҕай турар эбит. Өссө эбиитин кыратык чаҕылҕанныыр эҥин курдук.

  Биһиги, оҕолор, ол былыты көрөн, кыратын аанньа сэнээн, ыйа-ыйа күлэн тоҕо барбыппыт. Күллэхпит аайы былыт хараардар харааран испитэ, этиҥин тыаһа улааппыта. Оннук үллэн-үллэн баран, эмискэ солуурдаах уунан кутан барбыта. Уута наһаа тымныы этэ. Биһиги титирэстиэхпитигэр диэри тоҥмуппут. Күлбүппүт-салбыппыт ханан да суох буолбута. Сүрдээҕин куттанан, бырысыап анныгар киирэн, саһан хаалбыппыт. Хара былыт балайда ардыы түһэн баран, улам сырдаан, күүгэн курдук маҥхайан илин диэки уста турбута. Ол кэннэ тула чалбах бөҕөтө тахсыбыта. Билигин санаатахха, наһаа да дьикти түбэлтэ буола сылдьыбыт эбит. Күрүлүүр күнүс, биир да былыта суох ыраас халлааҥҥа, итиччэ намыһаҕынан туох хара былыта кэлэн ардаан-самыырдаан, этиҥ уонна чаҕылҕан аргыстаах кэлэн барбыта буолуой? Ити кэнниттэн, куһаҕаны биттэниэҕи, биһиги аймахха туох да быһылаан буолбатаҕа. Сайын этэҥҥэ ааспыта. Быһата, айылҕа дьикти көстүүтэ көстөн ааспыта буолуо ээ дии саныырбар эрэ тиийэбин.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 17:50

Чөҥөчөх оҕото

Арай биирдэ өр көрбөтөх доҕорбун көрүстүм. Уйбаан диэн. Дьиҥэр дьахтар иигэ халыйан тиийэр сиригэр, ыаллыы нэһилиэккэ олорор да улаханнык хаан тамайар да төрүөт суоҕуттан дуу, икки нэһилиэк икки ардынан сайын тимир көлө сырыыта суоҕуттан эбитэ дуу, кыһын тымныыга тугу сии барыаххыный, оннук көрсүбэтэхпит син ырааппыт эбит. Бу доҕорум оҕо эрдэҕиттэн киэҥ көҕүстээх эрээри көрүөх бэтэрээ өттүгэр элэс гыммыта эрэ баар ыт атах бэрдэ. Ону таһынан идэтинэн тимири ыллатар, маһы хаамтарар киһи.
Арай киһим олох балык айах буолан олорор. Хайа доҕоор, туох буолан ууну омуртуҥ, кэпсээ? Иэдээн буолла! Туох буолла ол? Дьэ, доҕоор, уол, уолум тиийэн кэллэ…, - дии² сыата бырдаҥалаата. Уолун суох курдуга, тугу, тугу туойдуҥ? Ээ, били улууска тутууга сылдьыбытым. Уонтан тахса сыллааҕыта. Ол саҕана эр бэрдэ буоллаҕым, биир да уһун дьууппалааҕы аһардыбат этим. Ол сылдьан биир үрүҥ дьиэ араҥаччыта, хара дьиэ хараҥаччыта биир кэрэ куону сөбүлээн кэбиспитим. Олох көрөр хараҕым дьүккэтэ, көтүрдэр тииһим миилэтэ киһим буолбута. Ол курдук үөрэ-көтө, үлэлии сырыттахпына дойдубар ыҥыран ылбыттара эмискэ. Суруйсан билсэ сылдьыбыппыт син сыл ордуга кэриҥэ. Онтон суруйбат да хоруйдаабат буолан хаалта. Аны ол кэмҥэ уларыйыы-тэлэрийии буолан, бары-барыта ыһыллан барыы-кэлии кыаллыбат буолан хаалта. Кэлин бэйэм да умна быһыытыйбытым. Онтон бэһис сылыгар ити ойохпун көрсөн ыал буолбуппут. Онтубут ол хаардаммыт чөҥөчөҕүм тиийэн кэлбэтэ дуо?! Умса бырах, тиэрэ бырах, олох мин!.., диэн кутан симэн барда. Ол уол ийэтэ ыалдьан өлбүт үһү. Аҕалааҕын ийэтэ тиһэх күнүгэр кэпсээбитин, кинини булаар диэн такайбытын толорон бу кэлбит. Ситинник син өр кэпсэтэн тарҕаспыппыт.
Кэлин истибитим Уйбаан хотуна уолу ылыммыт үһү, уола суох ыалга уол оҕо буоллаҕа ити. Аны Уйбаан уолун бэлэһигэр силлээбитэ бэйэтиттэн туох да хаалсыбат уус буолбут.

Быһаарыы:

Дьахтар иигэ халыйан тиийэр сирэ - чугас сытар сир
Киэҥ көҕүстээх - холку, ыксаабат
Тимир ыллатар, маһы хаамтарар - уус киһи
Ыт атах - быһый киһи
Үрүҥ дьиэ араҥаччыта, хара дьиэ хараҥаччыта - мааны дьахтар (оҕо)
Көрөр (көрдөрөр) хараҕын дьүккэтэ, көтүрдэр тииһин миилэтэ - ордук харыстыыра, таптыыра
Хаардаммыт чөҥөчөк (х) - эр киһи атын дьахтартан оҕото
Умса бырах, тиэрэ бырах - үүт-үкчү
Бэлэһигэр силлээбит - уус киһи эдэр уолу дьарыкка уһуйбут.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 17:51

“Ити кимий?”

Хайа баҕар кыра уолаттар ортолоругар - Дэриэбинэҕэ саамай күүстээҕий?- диэн ыйытык турбут буолуохтаах.Сити да боппуруос биһигини тумнубатаҕа,оскуолаттан дьиэлээн иһэн элбэхтэ мөккүөр буолара.

  • Маарга саамай ким күүстээҕий? Алик - Дьоппоһук - диир,Уйбаачык - Ньууккай- диир.
  • Дьоппоһук боксер
  • Ньууккай каратист
  • Дьоппоһук луосканы сытыылаан баран истиэнэҕэ тура түһүөр дылы быраҕар,хаайыыттан үөрэнэн кэлбит.
  • Ньууккай киэһэ аайы ииктии тахса сылдьан,айан суолунан ааһар курсаттартан биири-иккини эбэһээт дөйүтэн баран дьиэтигэр киирэр.
    Ити курдук бүппэт мөккүөрдээхтэр,хайалара да иннин биэрбэт.Мөккүһэ сатаан баран сакалааттаһаллар,мин туоһу буолан “быһааччы” буолабын.Илии тутустулар да “быһан” иһэбин.Кыайбыт сүүйүүтүн аҥаарын миигин кытта үллэстиэхтээх.Сакалааттаһыылара сырыы аайы уларыйа сылдьар:кэмпиэт,бэчиэнньэ,арагаайка,бүк тутуу быһах уо.д.а.,оччолорго биһиэхэ күндү астар,маллар.Биирдэ эмэ мөккүөргэ кыттыһан - ол киһи күүстээх- диэтэхпинэ,ол киһини таах кыайаллар - дэһэллэр,отой саҥардыбаттар.Онон “быһааччынан” сылдьабын,оннуга да ордук курдук.Кэпсэтии быһыытынан минньигэс ас буоллаҕына,аҥаара миэнэ,туттар мал буоллаҕына- уларсан туһаныахтаахпын.
    Ньууккайы хам-түм түбэһэн көрөбүн,көрдөххө да уолаттартан бастыҥнара,уол да уол.Ханна эрэ соҕуруу сылдьан каратэҕа үөрэммит үһү- диэн истэбит.Дьоппоһугу көрөн билбэппин,сураҕа сопхуоска суоппар үһү.Алик аҕата эмиэ суоппар онон билэр быһыылаах.
    Ол курдук хас сыл мөккүспүттэрэ буолла,кэм улаатаммыт ,мөккүөр тохтоото.“Кыайыылаах” суох буолан “сакалаат” аҥаара тиксибэтэ.
    Сэттис кылааһы тахсыбыт сайыммар Бороҕонтон убайым Һааса уоппускатыгар оҕолорунаан кэллэ.Сайын саҕаланыыта буолан өрүскэ таһаҕастаах баржалар кэлэллэр,онно куруус үлэтигэр дьон бөҕө араас дэриэбинэлэртэн киирэн үлэлииллэр.Ону көрө киирдибит.Үөһэттэн көрүөхпүт диэн ыскылаат кэтэҕэр турар ыскамыайкаҕа бардыбыт.Тиийбиппит,биир киһи олорор,убайбын кытта илии тутуһан дорооболостулар.Һаас кэккэлэһэ олорунан кэбистэ,кэпсэтэн бардылар.Бэрт синньигэс саҥалаах хатыҥыр киһи.Мин кинилэр кэпсэтиилэрин истэ барбатым,хас да бааржа кэлэн сүөккэнэ тураллар.Киһи элбэх,массыыналарга таһаҕас тиэйэллэр.
    Толору тиэниилээх массыыналар сыыры дабайан ыскылааттарга кэлэллэр,сорохтор айан суолунан дэриэбинэ диэки бараллар.Ону көрөн аралдьыйан төһө өр сылдьыбытым буолла.
  • Арсен,чэ,дьиэлээтибит- диэн саҥаны истэн хайыспытым,убайым баран эрэр эбит.Матассыыкылга мэҥэстэн иһэн:
  • Ити кимий?- диибин
  • Билбэккин дуо? Дьоппоһук дии- диэтэ.
    Дьэ,мин соһуйуу бөҕөтүн соһуйдум.Били аатырдар Дьоппоһуктара ити эбит дуу- диэн.Өйбөр Дэлиһиэбис Уйбаан ,Ярослав курдук бөдөҥ-садаҥ,улахан саҥалаах буолуо - диэн саныырым таҥнарыта буолан таҕыста.Саатар убайым эрдэ эппэт ээ,итиччэ түбэһэн баран өйдөөн көрүө эбиппин - диэн саныы-саныыбын айаннаһа турдум.

10.11.20 сыл

Арсен Михайло
Маар с.,Ньурба

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:23

Ыалдьытымсах ыал.

Тыа киьитин билинни сокуон элбэхтэ да улуус киинигэр тиэьиннэрэр буолла5а, массыына эттэьэн, эбэтэр эриэйсэбэр оптуобуьунан Сунтаарга киирдэххэ, туьуулэнэр, чэйдиир, дьыалан табыллыбата5ына хонон да хаалар тугэннэргэ санаан хоту ыал булан туьэр, сылдьар туьугар табыллыы буолааччы.
Андрианнаахха бастаан 8 саастаахпар, эьэм елен, тереппут а5ам сана ойо5унаан олорор сиригэр хоту Ойуьардаахха баран иьэн сылдьан ааспыппыт. Сарсыарда эрдэ туран Иж Юпитер 4 сана коляскалаах мотоциклынан Сунтаар пордугар,биьигини 4 киьини иккитэ кырынан киллэрбитэ.
Кэлин аба5абынаан сылдьан билсэн, Андрианнаахха бэйэм да сылдьар буолбутум.
Андриан мэлдьи уерэн кетен, кулум аллайан, сутэрэ сылдьыбытын булбуттуу, санаран инэрэн,быыьыгар уерэтэн да ылааччы, оттон санаспыт Галина хара бараан сирэйигэр биир тэн ма5ан тиистэрэ кэчигирээн мэлдьи саната суох мичээрдии олорооччу.
Мин сылдьан хоноьолуурбар, ыалдьыт буолан итии чэйдэрин, минньигэс астарын иьэрбэр Таисия, Георгий, Лена, Степа туспа бараннар Андрианнаах Галя бэйэлэрэ эрэ олорор кэмнэрэ этэ.
Дьиэлэрин эргэ маьын хас биирдиитин устуруустаан, акылаатын урдук гынан сиэмэнтэнэн куттаран, дьып-дьап оностон, кимнээ5эр утуе кестуулээх дьиэ буолан тахсыбыта.
Андриантан бастаан ейбер туьэр гына - Куьур Ыстапаан диэн Тирэ5эттэн теруттээх уопсай ебугэлээхпитин билэбин. Эбэм еттунэн айма5ым буолар эбит Андриан Степанович.
Иккиэйэх бэйэлэрэ мэлдьи толору эбиэт буьараллара, то5о диэтэххэ, булгуччу Хочо еттуттэн, Элгээйи энэртэн хоноьо ыалдьыт баар буолар, сурдээх ыалдьытымсах, дэлэй сэьэннээх, минньигэс астаах чахчы да5аны быстарбыкка - сал5абыл, ыктарбыкка - уоскулан, муммукка - субэьит буолар мааны ыал диибин. Аба5ам Михаил Игнатьевич ыалдьыбытыгар Андрианнаах айманан элбэх киьини, келену ата5ар туруоран самолетка тиийэ арыаллаан, суксэн кетехсен киирбитин се5ен кэпсииллэрэ, биирдэ мин мотоциклым алдьанан Алланаттан кеме кердеебуппэр бортовой УАЗигынан тиэйэ тахса сылдьыбыта. Кэлин саьааннаан дьыала5а тубэьэн, улэтэ суох сылдьар кэммэр, санаьым Галина, таайым Андриан туора турбаккалар туох кыахтаахтарынан ис сурэхтэриттэн кемелеспуттэрэ. Бу маннык ис сурэхтэн тахсар быьыыны, чахчы киьи кыьал5атын ейдуур, кини тургэнник кыьал5аттан тахсарыгар ба5арар киэн дууьалаах дьоннор дьайыылара дии саныыбын.
Киьи оло5о араас, ыраас хонууну туорааьын буолбатах, мелтеен-ахсаан, будуруйэн-айманан да барааччы, онтон олохтон тэмтэрийээччи да баара мэлдьэх буолбатах. Ону барытын туораан, 4 о5ону биэбэйдээн улаатыннаран, угус сиэннэ, хос сиэннэ Андрианнаах Галина бигэ тирэх буолбуттара саарба5а суох.

  • Сылы быьа музыкальнай оскуола5а таспыт-а5албыт хамнаспын хата сиэним 3 солкуобайы биэрдэ,- диэн Андриан Степа кыыьын кулэрэ дьээбэлиирэ бу баарга дылы. Сиэннэригэр барыларыгар ейдетен этэн, сыллаталаан мэлдьи учугэйгэ иитэ такайа сылдьара Андриан.
    Дьэ уонна хас быыбар аайы Андриан халбаннаабат хомуньуус. Ленин, Сталин мэтириэттэрэ хоьугар ыйанан турааччылар. Миигин дьэ эьэн хомуньуус этэ, эн да5аны хомуньуус партия5а киир, норуот туьугар киирис диэн элбэхтэ этэрэ, партия киин кэмитиэтин уураахтарын, аныгы былаас хоруупсуйа, сиэрэ суох быьыыны халбана суох утарара. Охсуьар дьыалатыгар ис сурэ5иттэн бэриниилээх уонна хомуньуустан атын учугэй олох бу дойдуга суох диэн бигэ эрэллээх буолааччы таайым.
    Билигин, хомойуох иьин, Хамсык ыарыы туран, кырдьа5ас аймахтарбар сылдьыбат буолуохпуттан, Сунтаар миэхэ уларыйбыт курдук: Тимир тамыр сирэйдээх, дьыалы куолу дьоно, охтон да тустэххинэ урдугунэн атыллаан ааьыах кэриннээх таас курдук мессуеннээх дьон.
    Туохха эмэ ситиьэн табыллан да ыллаххына уеруугун уллэстэргэ тиэтэйбэт ымыттыбат бодолоох сиэрэй дьон…
    Дьэ оччо5о ейдуугун Андриан уонна Галина хайдахтаах истин, киэн, сырдык сыдьаайынан сыдьаайан биьиги курдук дьоннорго сирдээ5и сырдык тугэннэри бэлэхтээбит кэрэ ыалларын.
    Мэлдьи саныыбын, ахтабын, сылаас дьиэлээх, итии чэйдээх, тотоойу дьикти минньигэс астаах чахчы да сатыы тайа5а буолар, аттаах ойбоно буолар, тонмуту ириэрэр, быстыбыты сал5ыыр, сылайбыкка сэниэ биэрэр, илистибиккэ эрэли са5ар саха мааны ыалын.

    МИЧИЛ Гурьев - СУОЛ.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:24

КЭПСЭЭН. КӨЛҮЙЭ.

19:00 17.04.2022

Сайыҥҥы куйаас күннэр сатыылааннар, салгын ибир да хамсаабакка, күөх тумарык буолан дьиримнии турдаҕына, улар оҕолоро тиит төргүү мутугар айахтарын атан аҕылыы олордохторуна, тайах кыыл куйаастан, күлүмэнтэн куотан куталаах көлүйэ ортотугар түһэн, даллаҕар кулгаахтарынан сапсына сыттаҕына, биһиги, дэриэбинэ кыра уолаттара, кыракый көлүйэбитигэр сөтүөлээн сөрүүкүүр буоларбыт.   Көлүйэбит барахсан дэриэбинэттэн балтараа килэмиэтир курдук сиргэ, сөмөлүөт түһэр былаһааккатын бүтэр уһугар, дьиэ оннун саҕа сиргэ, дулҕалар быыстарыгар, икки арбаҕар үөтүнэн хаххаланан, ‘’уолаттарым бүгүн тоҕо биллибэтилэр’’ диэбиттии, күн уотугар долгуннарын оонньотон кылабачыйа сытар. Уолаттар буоллаҕына, дэриэбинэ иһигэр сэриилэһэ оонньоон буһа-хата тиритэн боролуйа сылдьан, «сөтүөлүү барыаҕыҥ» диэн ыҥырыыны истээт, бары биир киһи курдук буут быстарынан көлүйэбит диэки сүүрүүнэн түһүнэн кэбиһэрбит. Ким инники тиийбит ыраас ууга умсаахтыырын билэр буолан, куоталаһыы кытаанаҕа буолара. Ортобутугар биир быһый уоллаахпыт үксүгэр инники тиийэн бэскилээх төбөтө ууттан быган күлэн ырбайа олорооччу. Кини түргэнник сүүрдэҕинэ чаачар курдук өҕүллэн, кэтэҕэ чынайан, атахтарын ылара көстүбэт биир кэм көлөһө эргийэрин курдуга. Иннибитигэр түһэн көхсүн эрэ көрдөрөрө. Онон кинини эккирэ тэр туһата суоҕун билэн, бэйэбит куоталаһан тыҥабыт күүгэнэ бара[1]нан көлүччэбитин нэһиилэ буларбыт. Ыксалбытыгар, таҥаспыт дуомун аара сүүрэн иһэн туора-маары тамныырбыт уонна көлүйэбитигэр кэлээт да, кус сыгынньах ууга оройбутунан түһэрбит. Кыра көлүйэбитин атыйахтаах уу курдук ытыйан, ыһыы-хаһыы доҕуһуоллаах уунан чалбааттанан күргүөмнээх сөтүөлээһин саҕаланара. Биһиги үөрэр-көтөр айдааммыт Эбэбит киэҥ ньууругар симэлийэн сүтэрэ. Баҕабыт ханыар диэри уһуннук сөтүөлээн, ууттан тахсан бэрт ыксалынан таҥаспытын булан таҥнар буоларбыт. Өскөтө, бытаардыҥ да күлүмэн обургу сытыы тиистэрэ эккин быһыта ыстаан аһытан куттууллара.

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/kepseen-k-l-je/?readОнтон тыын ыла түһэн атын «түҥ дэһии» оонньууну уһун оттоох дулҕалар быыстарынан сыылла сылдьан оонньуурбут. Бу мөккүөрдээх, этиһиилээх оонньуу буолара. Ким «өстөөҕүн» инники көрөн ыппыта куруутун кэриэтэ мөккүөрдээх этэ. Бу сылдьан ким эмэ илиитин дуу, атаҕын дуу сытыы кылыс окко хаан оҕуолуор диэри быһан биир мучумаан буолара. Аччыктаан куртах курулуйан, сылайан дьиэҕэ барыы буолара. Ол баран иһэн булгуччу чыычаах уйатын булан, кыһыл айахтарын муҥунан аппыт оҕолорун кумаарынан тото аһатан, ийэлэрэ көҥөнөн чырыптыы тула көтөрүн иһин түргэнник хомунан салгыы барарбыт. Аара ходуһаҕа кииһилэ элбэх үүнэрэ. Сымнаҕас сэбирдэхтэрин хомуйан аһыырҕата-аһыырҕата балайда сиирбит. Ол арааската куртахпытын албынныыр буоллахпыт. Аттыбыттан улахан аһыыҥка көтөн тирилээн тэйиччи баран түһэрин көрөн эккирэтэн тутан ылан утарытаары охсуһуннара оонньуурбут. Ити курдук уһун күн устата аһыырбытын умнан, Эбэбит барахсан киэҥ нэлэмэн, араас эгэлгэ сибэккинэн симэммит күөх ньаассын ходуһатыгар сылдьарбыт, бу санаатахха, айылҕа үөрэҕэр үөрэниибит буолар эбит. Тугу хараххынан көрөрүҥ, кулгааххынан истэриҥ, илиигинэн тутарыҥ, айаххынан амсайарыҥ барыта үөрэх буолан өйгөр хатанар. Ол курдук уҥуоргута тумарык буолан көстөр күөлбүт ньуурун үрдүнэн тыыраахылар, хоптолор ас көрдөөн айманар саҥалара, чөкчөҥөлөр туора-маары көтүүлэрэ, сороҕор үөрүнэн көтөр дьиэрэҥнэр, кураҕаччылар, аһыыҥкалаан сии сылдьар тураахтар, аттыбытыгар мэччийэ сылдьар ынахтар, сылгылар барыта сонун, барыта сэргэх. Отчуттар отууларыттан буруо тыргыйан оттооһун үлэтэ күүскэ бара турарын туоһута.

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/kepseen-k-l-je/?readКэлин улаатан баран, атын сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан сөтүөлээн көччүйэр кыракый көлүйэбин түүлбэр көрөрүм. Биир кэмҥэ дойдубар тахса сылдьан оҕо сылдьан сөтүөлээбит көлүйэбин көрө тиийбитим, көлүйэбит барахсан онно да суох буолан соһуп[1]пута. Оннооҕор дэриэбинэ чугаһыгар баар Суор көлүйэтэ диэн ааттаах обургу, күһүн-саас кустанар көлүйэ эмиэ сүтэн, дулҕа саба үүммүт этэ. Дьэ онон, олох уларыйа турдаҕа, айылҕа эмиэ кыралаан уларыйар диэххэ. Арай биир көстүү уларыйбат – урут да, билигин да Эбэбит киэҥ ходуһатыгар күһүөрү кэмҥэ бугул курдук элбэх кэбиһиилээх оттор лагларыһан тураллара хараҕы үөрдэр. Аҕам этэр буолара, «от быйаҥ, от баар буоллаҕына, бары барыта баар буолуо» диэн. Оннук да эбит. Тыа киһитэ быйаҥнаах сайынтан сөп буолар отун от­тоон, кыстыкка бигэтик үктэнэн көхсө кэҥиир, сүргэтэ көтөҕүллэр. Оттон кырачаан уолаттар төрөппүттэрин солбуйан эмиэ буһа-хата оттоон, ынах сылгы иитэн, түбүктээх буолан баран нус-хас олохторо иннин диэки аа-дьуо устан иһиэ буоллаҕа. КУЧАН.

© edersaas.ru сайтан

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:25

САХАЛЫЫ КЭПСЭЭННЭР:

Майгы-сигили

(Дьиҥнээх олохтон)

Сайын 1980сыл.
Нэһилиэктэн биэс көстөөх сиргэ ,алаас баарыгар.Сопхуос сайылыгын аҕыйах дьиэлэрэ көстөллөр. Сайылык түптэтин буруота унаарар.Титиик иһигэр ыаньыксыттар ынахтарын ыыр тыастара тимир ыаҕаска “чуурк"“чаарк"гынан иһиллэр.Электродойка эмиэ баар,үлэлиир курдук даҕаны сорох ыанньыксыттар суоска тиийбэт буолан,эрдэ бүтээри илиилэринэн ыыллар.Сопхуос ыанньыксыттарыгар, эбии көмө диэн эдэр кыргыттары аҕалбыттара.Онно иирэ талахтыы имигэстик хамсанар,сырдык ыраас хааннаах номоҕон дьүһүннээх, Натаа кыыс баара.Кини кыра эрдэҕиттэн үҥкүүһүтүнэн биллэрэ.Ыанньыксыттарга көмөлөһөрүн быыһыгар,ырыа ыллаан киҥинэйэн үҥкүүлээн барыахтыы дьиэрэҥкэйдээн ылара.Кыысчаан сибэккигэ түһээри гыммыт лыахтыы дайара.
Эдэр бостуук уолаттар сэмээр ,кинини уоран кыҥастаһаллара.Тоҕоостоох кэм көһүннэҕинэ, билсиһиэхтэрин баҕараллара.Кыргыттар уопсастыбаннай үлэҕэ,уус - уран тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлара.Политинформатар лекция ааҕара.Субуотаҕа нэһилиэккэ таансылыы тахсаллара.Сайылыктан үүт таһар массыынаҕа хатаастан,ким уолаттары кытта матасыыкылынан,ким түөрт кыырыктаах мас көлүөһэлээх тэлиэгэлээх атынан,айаннаан тиийэллэрэ.
Биирдэ пиэрмэ үлэһиттэрэ нэһилиэк кулуубугар, кэнсиэрт көрдөрөр буолбуттара.Онно биригэдьиир ким ырыа ыллыыр,ким хоһоон этэр дьоҕурдааҕын ыйыталаспыта.
Дьүөгэлэрэ Натааны үҥкүүһүт диэн эппиттэригэр биригэдьиир көрдөспүтэ.Кыыс сөбүлэнэн үҥкүүлээбитэ.Кэнсиэртэрин толору нүөмэр булан ,нэдиэлэ курдук бэлэмнэнэн үчүгэйдик толорон, көрдөрбүттэрэ.Натаа кыысчаан үҥкүүлүүрүн бары сөбүлээбиттэрэ, хайҕаабыттара.
Натаа биир уол кинини мэлдьи кэтээн көрөрүн сэрэйбитэ.Биирдэ ынаҕын баайаары муоһуттан сурук булбута.Ким эрэ таптыырын билинэн суруйбут, уонна аатын суруйбатах этэ.

Кыһын бастакы хаар түһүүтэ Натаа дьиэтигэр киирэн истэҕинэ ,хаарга ким эрэ сүрэҕи,кубалары уруһуйдуура.
Дьэ итинник Ньукууһун кытта билсибитэ.Уол атыттар курдук билсээт да кууһаары илиитэ сарбаҥнаабат ,уураары уоһа чорбоҥнообот этэ.Көрсүө сэмэй буолан итинник таптыырын эппэккэ, кыбыстан сылдьан баран, биирдэ таансыга эр санаатын киллэрэн,үҥкүүгэ ыҥырбыта .Онтон сыыйа билсибиттэрэ.Натаа ким эрэ кинини кистээн таптыырын билэн,бүтэйдии сэрэйэн саныы сылдьыбыт буолан, уолу киэр аспатаҕа.Ол кэннэ Ньукуус илэ көрөн таптыырыттан санаата көтөҕүллэн.Кыыска күн аайы кэлэр буолбута.Өр сүтэрэ сылдьыбытын булбут киһилии дуоһуйбута.Ньукуус төһүү үлэһит,булчут бэрдэ этэ.
Онтон ыла кинилэр бур,бур буруо таһааран эйэ дэмнээхтик сыһыаннаһан, төрөөн -ууһаан чэчирээн олороллор.Оҕолорун харыстаан мээнэ үлэлэппэккэ,мөхпөккө дьарыйбакка ,мэлдьи кинилэр санааларын хоту,маастарын табан иитэллэр.Онтулара хойутуу охсуулаах буолбута.Оҕолор улаатан ыал буолан да бараннар ,төрөппүт көрүүтэ-харайыыта суох олорбот курдуктар.Натаалаах Ньукуус оҕолоро улаатан, дьэ оҕоттон сынньанаары гыммыттара,аны сиэннэрин аҕалан куталлар.Ону кинилэр буолуохтааҕын курдук ылыналлар"оҕо дьол"диэн саныыллар.
Тугу булбуттара,үлэлээн хамнастаммыттара барыта оҕолоругар.От оттоон сүөһү иитэн, үүт туттаран ииттинэллэр.Настаа остуораһын ,пуобарын да хамнаһа биллээхтиир буоллаҕа ди.Оҕолорун иитээри икки үлэни үлэлиир.Ньукуус эмиэ тыраахтырынан дьоҥҥо холтууралаан, күһүнүн бултаан,түүлээх туттаран,булбута-талбыта барыта оҕолоругар.Ол оннугар уолаттара үлэлиэхтэрин баҕарбаттар.Саатар дьонноругар оттоһо кэлбэттэр .Биллэн турар кинилэргэ барыта эрэйэ суох, кэлэ турар буоллаҕа ди.Кыһын эт-үүт ыыталлар.Эбиитин улахан уолларыгар харчы мунньан,сороҕун кирэдиит киирэн дьиэ ылан биэрбиттэрэ.Хомойуох иһин уоллара ону атыылаан баран ,ханна эрэ ойоҕунаан дьиэ куортамнаан олороллорун истэн кэлэйбиттэрин иһин ,төһөнү кэлэйиэхтэрэй.Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэлэтэ, бэйэни көрүнэ үөрэппэтэхтэрин иһин бэйэлэрэ буруйдаах курдук санаммыттара.Ньукуус уолаттарыгар мас хайыттарбат,муус киллэттэрбэт буолара.Барытын бэйэтэ үлэлиирэ.Син ол курдук Натаа эмиэ икки кыыһыгар иһит да сууйтарбат,үксүн бэҋэтэ гынара.
Барыта наар аанньа буоларын курдук, кыыстара мас-салаҥ сүрэҕэ суох киһиэхэ тахсан, эмиэ биир туспа эрэй.Биэс оҕолонуохтарыгар дылы күтүөттэрэ дьиэ - уот туттар санаата суох.
Саатаркыыстарын ситэ үөрэп

пэккэ ойох ылан баран ,онно эрэ кыһаммат.Эмиэ бүгүн иһэ тот буолла да бүтэр.Күннээҕинэн эрэ олорор киһи.Кыра кыыстара эмиэ үөрэххэ эмиэ киирбэтэ.
Натаа “туох буруйбар ,маннык табыллыбаппытый"дии санаан,иһигэр муҥатыйар.Буруйдара диэн оҕолорун,бас-баттах ыытан,төбөҕө ытыарбыттар.Кэргэнэ эмиэ иһигэр итинник саныыра буолуо да ,таһыгар биллэрээхтээбэт.
Түөрт оҕону төрөтөн ,төлкөлөрүн түстүү сатыыллар да табыллыбат,түөрэхтэрэ билиҥҥитэ олордьу түспэт курдук.Олох ыараханыттан эбитэ ду,ким эмит ордук санаан кырыыс тыл эппитэ ду дии саныыр Натаа.

Натаа урут эдэр сылдьан, кыргыттартан уһулуччу дьоҕурдаах буолааччы.Бары кинини өрө тутааччылар.Оскуолаҕа даҕаны барытыгар кыттан инники күөҥҥэ сылдьааччы.
Кэргэнин кытта саҥа холбостохторун утаа, кулуупка кэнсиэркэ ыҥырдахтарына үҥкүүлүүр этэ.Кэнники эдэрдэри үҥкүүгэ дьарыктыыра ,уһуйара.“Саһарҕа"диэн үҥкүү бөлөҕө тэринэн биллэн-көстөн барбыта.Онтон кэлин кинини бөлөхтөн туоратар курдук ,ыҥырбат буолбуттара.Натаа сэрэйэринэн мэлдьи киниттэн иҥнэр,Кэтириис диэн нэһилиэк хобун-сибин хорохоото дьахтар буолуон сөптөөх.
Бука кини “өҥөтүнэн"тугу эрэ өйүттэн оҥорон кэпсээн ,уопсастыбаттан туораттахтара.Дьон мөкү тыла хоноро үчүгэйгэ тиэрдибэт.
Күлэ-үөрэ дьону кытта алтыһа сылдьан ,сыччах биир тыл тамаҕыттан сылтаан туора көрүллэрэ абалаах.
Натаа билигин даҕаны оҕолору үҥкүүгэ дьарыктаан, “хотугу сулус"күрэххэ кытыннартыан баҕарар.
Хомойуох иһин мөкү кэмэлдьилээх дьон баара, барытын атахтыыр эбит.Түөлбэтин дьоно туох иһин туораталларын Натаа ,кыайан өйдөөбөт.Кини дьоҥҥо туох эмит үтүөнү оҥорон,кини куһаҕан буолбатаҕын көрдөрүөн баҕарар.Ыал буолуохтарыттан, дьон сиэринэн олорон кэллилэр.Кими да кытта этиспиттэрэ да суоҕа.
Кэлин биир дьүөгэтиттэн истибитэ, биир киһини кытта көрбүттэр диэн сымыйа сураҕы тарҕатан ырааппыттар эбит.Натаа итини истэн баран өмүрэн саҥа таһаарда,тиэрэ кэлэн түһэ сыспыта.Кыбыстан сирдээн тимириэн сир кытаанах,халлааннаан көтүөн халлаан ыраах.Наай гыннар дьонугар баран күүлэйдээн кэлбитэ.
Дьон итинник оҥорон кэпсиирин сөхпүтэ,кэлэйбитэ.
Оннук сураҕы ыытар киһиэхэ ,этэригэр чэпчэки.Онтон тустаах киһиэхэ олоҕо тосту уларыйан ,таҥнары түһүөн сөп.Итинник сымыйа сурахтан сылтаан эрдэриттэн үлтү кырбаммыт,олохторо алдьаммыт дьахталлар да суох буолбатахтар.
Онон суруйааччы Ородьумаан эйиэхэ олохпун кэпсээбит төрүөтүм.Дьон мээнэ холуннаран оҥорон кэпсээбэтин,онтон сылтаан дьоллоох олохтоох да дьоннор олохторо огдолуйуон сөбүн тиэрдээри,мин курдук буолбаттарыгар баҕаран суруттардым.Сахалар бэйэбит да аҕыйах ахсааннаах омуктарбыт.Онон бэйэ,бэйэни харыстыаҕыҥ,хойох хостоһумуоҕуҥ,дьон олоҕун хобунан-сибинэн хомотумуоҕуҥ.

Ородумаан

09.04.17.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:26

Тооромос лэппиэскэ сыта

Саха балаҕана. Борук-сорук хараҥаҕа көрдөххө, кырыанан бүрүллүбүт муус түннүк оһох күрүнньүгүнэн хараара өспүт. Балаҕан муннуктара чэҥинэн бүрүллэн, тымныынан аргыйан, киһи кута-сүрэ тохтообот.
Көмүлүөк оһох имик-самык умайан сыыгыныыр. Хоруоран хаалбыт чугууҥҥа уу биллэр-биллибэттик оргуйан бүллүгүрүүр. Сэттэлээх Маайыс уонна киниттэн икки сыл балыс Тиимискэ, оһох сылааһыгар сыраллан туран, сотору-сотору күөстэригэр харахтарын быраҕан ылаллар. Улаханнара, аҕыстаах Кириискэ, уоттуйа тырыттыбыт ырбаахытын куул ыстааныгар ыга симинэрин быыһыгар күөһүн булкуйбахтаата. — Убаай, этиҥ буспата дуо?- Тиимискэ хап-хара кылахаччыйбыт хараҕынан убайын көрөр. — Аргыый. Мээнэ саҥарыма. Аны дьон истэригэр эт диэн хайыта бараҥҥын, ийэҕин хаайыыга ыыттараайыккыный? — Кириискэ улахан киһи быһыытынан быраатын буойар. — Дьон тугу да албыннаан ыйыттыннар, олох саҥарбат буол. Наһаа мөхтөхтөрүнэ, хайдах буолуохтаах этигиний? Убайын саҥатын дорҕооно ситэ бүтэ да илигинэ, кыра уол, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрбүтэ буолаат, тиэрэ таһылла түһэр. Көрөн турааччылара күлэн кыччыгынаһаллар. Тиимискэлэрэ биллэ-биллибэттик атаҕын ибирдэтэн ылар. — Тур, Тиимискэ, куһаҕаны биттэнимэ. Илдьи бустаҕына, биирдэ миинин иһиэхпит. Оччоҕо амтаннаах буолуо. Ити таһынааҕы туора топпут ыалбыт сүөһүлэрин төбөтүн бырахпыттарын көрөн, ийэбинээн эттээн, умуһахха бырахпыппыт абыраата да, бүтэн эрэр. Эбиитин кутуйахтар ыаллаһаллар. — Онтон чааркааҥҥар кутуйахтар киирбэттэр дуо? – Маайыс өрө сыҥарын быыһыгар ыйытар. — Дэҥнэтэн киирэллэр да, пахай, быраҕабын, аны кутуйах ыарыытыгар хаптарыахпыт. Учуутал инньэ диэбитэ. Ыарахан тиит халҕан нэһиилэ кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн, Тиимискэ ааҥҥа утары сүүрэн тиийдэ: “Ийээ”, — диэбитинэн, ийэтин атаҕар сөрүөстэн кууһан ылла. — Уу, оҕом сыыһа…- Өрүүскэ уолун хам кууһан, кэтэҕиттэн сыллаан ылла,- хайа, һыллыы, хайдах олордугут? – ийэ хараҕа Кириисэтигэр хатанна. — Үчүгэйбит, ийээ. Учууталым миигин үчүгэйдик ааҕаҕын диэн хайҕаата, — Кириисэ кэпсиирин быыһыгар ийэтин чараас болтуо сонун уһулан, аан таһыгар баар мас көхөҕө ыйаата. — Ийээ, биһиги миин буһардыбыт. Олор, аһыахпыт, — уол төгүрүк остуолларын оһох таһыгар соһон аҕалла. Чугуун миискэтин нэһиилэ ыадаччы көтөҕөн остуол ортотугар уурда. — Уу, оҕом сыыһа, элбэтээри, барытын уу гыммыккын дии. Чэ, хата, син уу курдук буолуо дуо, биллэр биллибэт да буоллар, син амтаннаах буоллаҕа, — диирин быыһыгар, хас да сиринэн үрүт үрдүгэр сылгы кылынан үүйүллүбүт ылтаһын тэриэлкэлэригэр тохтубат гына көп түгэҕинэн миин куппутун оҕолор барахсаттар, ким эрэ былдьаан ылыа диэбиттии, сойутан үрэллэрин быыһыгар, барытын сыпсырыйан иһэн кэбистилэр. — Уонна сорҕотун сарсын сарсыарда иһиэххит. Билигин оҥостон утуйуоҕуҥ, — ийэлэрэ дьаһайар. — Ийээ, эн икки тэриэлкэни ис ээ, ыарахан үлэҕэ сылдьаҕын буолбат дуо, — Кириисэ ийэтигэр эбии кутан биэрэр. — Оҕом сыыһа, наар хараанныы сылдьар буоллаҕа.. Ураҕас мас курдук куйаабылланан, дьүдьэх да буолларгын, күн ахсын оттомуран, улахан киһи курдук быһаарыылаах тылгын-өскүн истэрэ буоллар, аҕаҥ барахсан төһө эрэ үөрэр, киэн туттар этэ. — Ийээ, аҕабытыттан сурук кэлбэтэ дуо? — Маайыс ийэтин сирэйин өрө мыҥыыр. — Суох, суох. Аҕабыт биһиги көҥүлбүтүн көмүскээн, өлөрүн-тиллэрин да умнан туран, сэрии уотугар сылдьар. Билигин суруйар бириэмэтэ да суох. Суруйуоҕа. Оҕолорун умнаахтыа дуо, хаан-уруу дьоннорун күн ахсын санаан, сүрэҕэ ыалдьаахтыыр буоллаҕа, — ийэлэрэ кэпсиирин, аҕалара бэйэтэ кэлэн саҥара турарын курдук санаан, чуумпуран истэллэр. — Ийээ, ону эн хантан билэҕин? — Маайыс туоһулаһар. — Һыллыы, аҕаҕыт барахсан санаатын билбэт бэйэлээх буолуом дуо? Биһиги туспутугар сүрэҕэ-быара төһө эрэ ыалдьан сордоно сылдьаахтыыра буолла… — ийэ куолаһа титирэстээн ылар. Оҕолор саҥата суох ийэлэрин санныттан кууһаллар. — Чэ, бээ, бүтүөҕүҥ, оҕолорбун, бэйэлэрэ да кыраттан туттуна сылдьар дьону уйадытаары гынным. Бу лэппиэскэ сыыһа аҕалбытым, ону үллэстэн сиэҥ, — халадаай ырбаахытын тэллэҕэр туомтуу баайбытын сүөрэн, биир быһыы курдук лэппиэскэ тоорохойун таһааран Кириисэҕэ биэрэр. — Сарсын күнүс сиэхпит, — уол сыа-сым курдук тутан, таҥас өрбөҕөр суулаан, үөһээ өһүө баһыгар кыбытан кэбистэ. — Аам, сыта үчүгэйиин, — Маайыстаах Тиимискэ ымсыырбыттыы батыһа көрөн хааллылар, саҥата суох силлэрин быһа ыйыһыннылар, чаҕылыйа түспүт харахтарын, убайдарыттан кыбыстыбыттыы, умса көрөн кэбистилэр. Ийэлэрэ нэһиилэ сукуҥнаан туран, оҕолорун кэрийэ сылдьан баттахтарын имэрийэрин быыһыгар иэдэстэриттэн сыллаталаан ылаат, оронугар тиийэн токуллан сытта. Тиимискэни убайа ийэтин улаҕатыгар сытыаран баран, иккиэннэрин илдьирийбит нэк суорҕанынан, бэрт кыһамньылаахтык үллүйэн кэбистэ. — Чэ, Маайыс, ийэҥ атаҕар сыт. Билигин мин мас киллэрэн баран сытыам, — Кириисэ балтын дьаһайар. — Убаай, остуоруйа кэпсиэҥ дуо? — Тиимискэ ийэтин улаҕатыттан бүтэҥи саҥата иһилиннэ. — Сөп, кэпсиэҕим. Эһиги саҥата суох сытыҥ, ийэбит утуйдун, — уол аҕатын эргэрбит истээх сонун кэтэн тахсан барда. Кириисэ, таһырдьа тахсаат, күнүс сыралаһан бэлэмнээбит маһыттан аҕыйах хардаҕас, тиит мутуктара, лабаалара харааран, ыһыллан сыталларын хомойбуттуу көрөн турда. Халлаан наһаа хараҥарбатах, ый сырдыгар сир-дойду сырдаан, туналыйан көстөр. Арай көмнөҕү бүрүммүт тиит мастар халлааҥҥа харбаһан күлүктэнэн эбии уһаабыкка дылы сарбаһан, онтон хараара хаппыт чөҥөчөктөр киһини самнарыахтыы күлүгүрэн туралларыттан төһө да сүрүн баттаттар, дьоно утуйа сыттаҕына чугастааҕы тыаҕа бара сылдьарга сананна. Биир эмэ маһы соһон аҕалбыт киһи дии санаан, тэрээк сүгэтин ылан, сэниэлээх соҕустук туттан, тыаҕа барда. Куһаҕана диэн, ынах этэрбэһэ ирэ-ирэ тоҥор буолан, халтараана сүрдээх, сүһүөҕэ суохтук хаамара ыарахан соҕус, охтумаары, көмүрүө хаарга күүскэ тирэнэн хаама сатаата. Сотору халлаан сылыйыа. Чалбах бөҕө тахсан, хаары-ууну биллиргэччи кэһиэ этэ. Онтон сайын буоллаҕына, абааһы этэрбэһин, ийэтэ мөҥүө да буоллар, таһырдьа бөххө кыыратыа. Сир-дойду күөҕүнэн симэниэ, сибэкки үүнүө, үрүмэччи бөҕө көтүө, чыычаахтар ыллыахтара… . Баҕар, сэрии бүтэн, аҕалара кэлиэ. Оо, аҕалара кэлэрэ буоллар, оҕо сааһа эргиллэн, мэниктии-моҕотойдуу сүүрүө этэ. Сайын кэллэр, кэм балыктаан, кустаан эбиниэ этилэр. Дьиҥинэн, бүгүн балачча мас бэлэмниэҕин, туһахха иҥнибит куобаҕын суоллаан, маһын ситэ бэлэмнээбэккэ хаалбыта. Куобаҕын да булбата, хата, ийэтэ барахсан мас бэлэмнэммэтэҕин көрбөккө киирэн абыраата. Онтон атын, сынньаммакка, түүннэри мас бэлэмнэһиэ этэ. Аҕыйах ый тулуйаллара буоллар, халлаан итийэн, сылааска тиийэн, хара сиргэ үктэниэ этилэр. Аҕата кыра эрдэҕинэ, көтөҕөн ылан үөһээ быраҕаттыыра, хатыылаах сэҥийэтинэн, оронноругар төкүнүтэ сылдьан сыллаатаҕына, чачыгыраччы күлэрэ. Оо, аҕам барахсан, тыыннаах эрэ эргилин, хаһан кэлэҕин, төһө эрэ үөрэр этибит. Ийэм алаадьы, кырбаһынан эт буһарыа. Санаатыгар аралдьыйан, уол мутуктан иҥнэн умса баран түстэ. Ыарыыланан балачча сыппахтыы түһээт, түөрт атах буолан сыралаһан туран, иҥнэн охтубут маһын хаартан хостоон чыраахтаста. Онтон сиэбиттэн ынах быатын таһааран, маһын төбөтүн баайаат, соһорго бэлэмнэнэн, быаны бэйэтин тула эринэ тардынаат, кэлбит суолунан дьиэтин диэки дьүккүйдэ. Нэһиилэ иэҕэҥнээн балаҕанын таһыгар кэлэн, сүгэтинэн маһын аҥардаан барчалыы сатаата да кыайбакка, нукаай курдук буолан, чигдигэ олоро түстэ, кыратык сынньанан баран туруом диэн санаан ылла. Дьиэ аана кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн, нэһиилэ үнүөхтээн туран иһэн, балта Маайыс чуочаһыйан турарын көрөн, күүһүгэр күүс эбиллэргэ дылы гынна, ойон турбутун билбэккэ да хаалла. Балтын батыһыннаран, дьиэҕэ киирэн иһэн, оһох иннигэр турбут дьаадьаҥнаабыт төгүрүк остуоллара икки атах буолан иҥнэйэн турарын соһуйа көрдө. Остуол таһыгар ытаабыт сирэйдээх-харахтаах Тиимискэ тобугун имэринэ турар. — Тоҕо, киһиэхэ эппэккэ эрэ, түүннэри мас бэлэмнии бараҕын, суолга охтоору, — ийэтэ уолун хойуу будьурхай баттаҕын өрө-таҥнары имэрийэрин быыһыгар сэмэлээн киирэн барда, — эн суоххунан, биһиги утуйа сытарбытынан туһанан, быраатыҥ остуолу соһон, лэппиэскэ тооромоһун уоран сиэри, соҕотох остуолбутун суулларан, икки атах оҥордо, бэйэтэ, хата, улаханнык тугун да өлөрбөтөх гынан баран, иҥсэтигэр ыт буола сыста. Дьаабы киһи, — ийэтэ кыра уолун кэлэйбиттии көрөр. — Тобукпун өлөрдүм, дьуккуруйбут уонна көҕөрөн хаалбыт, — Тиимискэ өрө сыҥсыйарын быыһыгар, аһыннарыахтыы, тобугун имэринэ турда. — Бэйэҥ буруйдааххын. Иҥсэҕин кыана туттубаккын. Киэһэ аһаабыппыт буолбат дуо? Сааппат сирэй, убайа хаһааммыт лэппиэскэтин тооромоһун уорар…— эдьиийэ кыыһырбыттыы көрөр. — Мин уоруйах буолбатахпын. Онтон ити… лэппиэскэ сыта кэлэр этэ. Мин утуйа сатаабытым. Онтон… төрдүөн аҥардаһан сиэтэхпитинэ, туох да буолуо суоҕа дии санаабытым ,- уоллара бөтө-бөтө ытаан киирэн барар. — Чэ, бүт, һыллыы, ким да эйигин буруйдаабат. Ити лэппиэскэни бүгүн Эбээ Матырыас буһарбыта. Кырдьык, наһаа минньигэс сыттаах этэ, — ийэлэрэ кистээн мүчүҥнүүрүн быыһыгар кыра уолун кэтэҕиттэн сыллаан ылар. — Убаай, мэ, бу эн өлүүҥ, — Тиимискэ тооромос лэппиэскэни чиэппэрдээбитэ, айахха биирдэ угуллар, эбиитин сиигирэн хаалбыт лэппиэскэ тооромоһун убайын илиитигэр туттаран кэбистэ, — Онтон бу… ийэм, эдьиийим өлүү лэппиэскэлэрэ, — талах олоппоско уурбут лэппиэскэлэрин дьонугар ыйан көрдөрөр. Үһүөн саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Тиимискэ дьоно кыыһырбатахтарыттан эрдийэн, кэтэҕин тарбанарын быыһыгар, хараҕын уутун соттон ньухханна.

Татьяна Находкина

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:29

Кыыс аата

Сырдык күн анныгар көстүбэт. Арай, хараҥа түүн буолуута, Им балайдыын мөккүһэрэ бүппэт… Киһи санаалара… Олох халлаанын кытта саҕахха силбэһэр ыраас уулаах күөл тэҥэ буоллахтара… Бэтэрээ эҥээргэ, уу түгэҕэр үүммүт салаа от, устан ааспыт балык күлүгэ, бадарааны будулутар чоху, бу баардыы, көстөр. Дьэҥкир уу төһөнөн дириҥиир да, оччонон ньуура киһи хараҕа саатыах күөх өҥнөнөн киэҥник тэнийэр, улам дириҥээн, хараҥаран, умустахха даҕаны дьиҥ түгэҕэ көстүбэт буолан эрдэҕэ… Сөрүүн сиккиэр, уҥуоргу кытылтан уу кырсын сырыһыннаран аҕалан, чэпчэки бэйэлээх долгуҥҥа кубулутан, атаҕыҥ анныгар, эмиэ да уоскутардыы, эмиэ даҕаны аймыырдыы, сабыта биэртэлиир… Кытылга оонньуу сылдьар кыыһыгар Сиимэ, сотору-сотору, хараҕын быраҕар. Арыт уу күөх ньуурун эргиччи көрөр, сороҕор уҥуор, халлааны уонна күөлү икки аҥыы араарар, куула тыатын одуулуур. Саҥа хааман эрэр кыыс оҕо кыһыл кууркатын анныттан былаачыйатын тэллэҕэ быһа сайбайбыт. Онто күһүҥҥү тыалга оҕустаран оҕо атаҕын кыаһылыыр, охтороору моһуоктуур. Кыыс кыһаммат, сайбайбыт таҥаһын өрө тардан, төҥкөйөн, атаҕын анныттан таастары ылан ууга тамныыр, өссө даҕаны сылаас дойдуларыгар көтө илик хоптолору дьиктиргии одуулуур уонна кинилэргэ туһаайан, тугу эрэ саҥаран, дьаһайбыта буолар… Бастакы долгун… — Нохоо, кыыстааххын дуо? Аата ким диэний? — таайа Дьаакып «Урал» массыынатын аппа уҥуор турар бугулларга хаамтаран иһэн Сиимэттэн ыйытар. — Эс! Суох! — диир Сиимэ уонна ойоҕос аан түннүгүнэн быган, массыына көлүөһэлэрэ батыллалларын дуу, батыллыбаттарын дуу манаабыта буолар. Ол аата Дьаакыпка иэдэстэрэ кытарбытын көрдөрүмээри. Дьиҥэр, кубарыйар эрэ кытарар, көр да көрүмэ, синэ биир. Сайыны быһа ходуһаттан тахсыбакка оттообут уол сирэйэ, күҥҥэ харааччы буһан, омунугар көҕөрөн көстөр курдук буолбут. Инньэ гынан, барбах, кэбиинэ иһиттэн харахтара уонна тиистэрэ эрэ килэйэллэр. Быйыл кыһын биир кыыс аата Сиимэ өйүн-санаатын сүүйбүтэ эрээри, уол ону кимиэхэ даҕаны кэпсээбэт. Туох диэҕэй? Ол кыыс Сиимэ бу күн сиригэр баарын даҕаны сэрэйбэт ини. Кини биир сыл балыс, быйыл онус кылаас буоллаҕа. Туйгун үөрэнээччи, спортсмен ааттааҕа. Сиимэ буоллаҕына токур үһүнэн оскуоланы быйыл бүтэрэн сопхуоска тахсыахтаах этэ. Хата, биир үтүө күн иһэ быһыта кымаахтаан таһырдьа туалеттыы тахсыбыта, киин хаһыат ойо тардыллыбыт эмтэркэйэ сытарыгар хараҕа хатаммыта. Онно «Ыччат! Оробуочай идэни баһылаа!» диэн ыҥырыы анныгар, куоракка ПТУ-га суоппар идэтигэр үөрэтэллэрин туһунан биллэриини булан ылбыта. Аармыйаҕа барыах иннинэ туох эрэ идэ дуомун баһылаатахха сатанар диэн санааттан сонно райкомолга сүүрбүтэ. Хомсомуол сэкирэтээригэр тиийэн ол хаһыат лоскуйун көрдөрбүтүгэр «оробуочай идэҕэ үөрэниэн баҕалаахтары туппаппыт» диэн туран орто үөрэххэ барарга путёвка биэрбитэ. Онон, ый анараа өттүгэр, куоракка киирэн, докумуоннарын ПТУ-га туттарбыта уонна, төннөн кэлээт, от үлэтигэр умса түспүтэ. Кыыһа билигин ханна баарын билбэт. Сэниэ төрөппүттэрдээх кыыс ханна эрэ соҕуруу лааҕырга эҥин сырыттаҕа буолуо. Үөрэххэ барыан иннинэ, саатар ыраахтан көрөрө буоллар, Сиимэ саҕа дьоллоох киһи бу сиргэ суох буолуо этэ… Сураҕа ол кыыһы оскуолаттан Үөрбэ Баанньа атаарар үһү. Ол Баанньа дэриэбинэ кыахтаах уолаттарыттан биирдэстэрэ, Сиимэни сиэтэҕинэ да топпото сэрэйиллэр. Чэ, Сиимэ да, аармыйаҕа баран кииллийэн кэллэҕинэ, син уҥа-хаҥас бэрсэргэ үөрэнэр ини. Иккис долгун… Сиимэ үөрэҕиттэн кыһыҥҥы уһун өрөбүлүгэр дойдутугар кэлэ сылдьан, эр санаатын ылынарга санаммыта. Тастыҥ эдьиийин кытта ыаллыы олорор, «эн-мин» дэһэр, дэҥҥэ тыл бырахсан ааһар кыыһыгар биир үтүө күн сурук сыыһын туттарбыта: — Кыдаана, бу суругу Лияҕа биэрээр эрэ, — диэн көрдөспүтэ. Кыдаана, уол сирэйэ-хараҕа туруммутун сөхтөҕө буолуо, биир-биэс тыла суох, буолуохтааҕын курдук ылан, суругу уктан кэбиспитэ уонна кылааһынньыссатыгар илдьэн биэрбитэ. Хата, уол дьолугар, Лия диэн ааттаах, оскуола үрдүнэн, соҕотох буолан абыраабыта. Сарсыҥҥытыгар Кыдаана эмиэ саҥата суох аҕалан, Сиимэҕэ бүк тутуллубут кумааҕыны туттарбыта. «Сиимэ, дорообо! Суруккун туттум, наһаа үөрдүм, долгуйдум… Арай, ааппын эрэ сыыһа суруйбуккун. Мин Лия буолбатахпын, Лилиябын. Дьонум Лиля диэн ыҥыраллар, эн эмиэ инньэ диир буол. Тоҕо диэтэххэ, Лия — атын аат, мин сөбүлээбэппин, адьас тириим таһынан ылынабын. Чэ, аны биллэҕиҥ дии, онон суруйаар, төлөпүөннүү сылдьаар. Кэтэһэ хаалабын, Лиля». Уол суругу ааҕан баран тугу гыныан билбэт турукка киирбитэ. Дьиэтигэр сүүрэн тиийэн Лиляҕа сонно төлөпүөннүөн баҕарбыта эрээри, аны кыыс дьоно туруупканы ылыахтара, кимин, туох наадатыгар эрийэрин туоһулаһыахтара диэн толлубута. Сарсыҥҥы киэһэтигэр, дьиэтигэр ким даҕаны суоҕунан туһанан, Лиляҕа эрийбитигэр, хата, кыыс бэйэтэ ылбыта. Ол киэһэ иккиэн буолары-буолбаты өр кэпсэппиттэрэ, эбиитин сарсын көрсүһүөх буолан болдьоспуттара. Өрөбүл кэмигэр уоллаах кыыс аҕыйахта көрсүбүттэрэ. Тохсунньу томороон тымныыларыгар уулуссаны төһө өр кээмэйдиэхтэрэй? Аны киинэҕэ сырыттахтарына, кыыс дьоно билиэхтэрэ уонна сөбүлүөхтэрэ суоҕа диэн туттуммуттара. Ол оннугар, уһун өрөбүлүн кэнниттэн сайыҥҥа тиийэ, Сиимэ нэдиэлэ аайы сурук тутар буолбута. Инньэ гынан үөрэнэр ПТУ-тун уопсайыгар суруксутунан аатырбыта. Үһүс долгун… Сиимэ, эдьиийэ соҕурууттан ыыппыт муодунай ырбаахытын өтүүктэнэн, куораттан бэйэтэ атыыласпыт вельвет ыстаанын кэтэн баран, сэрэниин-сэрэнэн, саннын кэдэччи тардар бэрэбээски баайыытын уһулла. Үөрэҕин бүтэрээри сылдьан хомурҕанын тосту түһэн дойдутугар эмтэнэ кэлбитэ нэдиэлэ буолан эрэр. Бүгүн дискотека буолуохтаах, онно кыыһы кытта көрсүһүөх, бииргэ сылдьыах буолбуттара. Хомурҕана ыарыйдар даҕаны, уҥуоҕун тутар баайыытын устарыгар тиийэр, тоҕо диэтэххэ ол баайыы кини көхсүгэр сүгэһэр курдук олорор. Хайдах Лиля оннук бөкчөгөр киһини кытта сылдьыаҕай? Сатаммат буоллаҕа эбээт… Дьикти баҕайы! Суруйсубуттара, төлөпүөнүнэн кэпсэппиттэрэ син ыраатта эрээри, Сиимэ билигин да кыыһын аатын сатаан саҥа таһааран ааттаабат. Өйүгэр, күн устата, сүүстэ хатылыыра буолуо даҕаны, утары туран аатынан хайдах ыҥырыан билбэт. Эгэ, илиититтэн сиэтэр санаа кэлиэ дуо?! Оннук чугас сыһыаҥҥа тиийэр эрдэтин сүрэҕэ таайар. Сиимэ ырбаахытын кэтэн баран үрдүнэн чараас куурка кэттэ уонна от күөх хаппахтаах, култаҕар бытыылкалаах «О`Жён» одьукулуонунан сотунна. Бу маны киниэхэ Лиля Эргэ Саҥа дьылга бэлэхтээбитэ. Онно Сиимэ эмиэ бэлэхтээҕэ эрээри, киниэнэ судургу соҕус буолаахтаатаҕа… Хаҥас илиитин кууркатын сиэбигэр уктан баран уол кыыһын көрсөөрү дэриэбинэ килбэйэр киинин диэки хаамта. Болдьоспут сирдэригэр тиийэн, кэтэһэн олордо. Арай ким эрэ кэнниттэн кэлэн сымнаҕас илиилэринэн Сиимэ харахтарын саба тутта уонна билэр баҕайы духуутун сыта уол тулатын былыттыы бүрүйдэ. — Лиля… — Өр кэтэстиҥ да? — кыыс күлэ-күлэ уол иннигэр кэллэ. — Хаама түһүөххэ эрэ, дьаарбайыахха, — диэтэ. Уоллаах кыыс уулусса устун ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ өр соҕус хаамтылар, дэриэбинэ кытыытыгар баар күөлгэ тиийэн кэллилэр. Тимир буочукаларынан иһэрдэн оҥоһуллубут болуокка уйдаран турар уу хачайдыыр носуос далаһатыгар кэккэлэһэ олороннор киирэн эрэр күнү атаардылар. — Сиимэ, эн инникитин туох былааннааххыный? — диэн кыыс эмискэ ыйытта. — Аан бастаан аармыйаҕа баран кэлиэм, онтон көстөн иһиэ буоллаҕа дии, — көнөтүнэн Сиимэ хардарда. — Аата дьиибэтин, киһи син биир туох эрэ ыра санаалаах буолара буолуо дии, бэйэҥ тугу да былааннаммаккын дуо? — Лиля атаҕынан бытархай кумаҕы далаһаттан ууга хаһыйар. — Билбэтим ээ, оннук улахан баҕа санаа суох курдук. Эһиэхэ, кыргыттарга, судургу буолуо — аармыйа диэҥҥит суох, төһө баҕараргытынан былааннаныаххытын, ыраланыаххытын син. Онтон биһигини, уолаттары, икки сыл устата туох күүтэрэ биллибэт. Баҕар Афганистаҥҥа ыытыахтара дии… — Эчи, кутталын! Арай онно бааһыран хаал? Хайдах буолаҕыный, оччоҕуна? — Билбэтим… Баҕар, ити көнтөс атахтаах Киргиэлэй оннугар бу уу носуоһун харабыла буолуом, биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри маннык далаһа үрдүгэр олоруом… — Бүт эрэ! Эн наар барытын көр-күлүү курдук аһараҕын, дьиҥэр, олох оннук чэпчэки буолбатах ээ… — Чэ, баҕар, миигин төрүт даҕаны аармыйаҕа ылыахтара суоҕа. — Тоҕо? — Оттон хомурҕаным тостон баран сылдьар дии, баҕар, сыыһа оһон, номнуо быйыл кыһын Көнтөс Киргиэлэй оннугар олорор буолуом… — Оо, дьэ! Бүт эрэ, Сиимэ! — Лиля күлэрэ күөл үрдүнэн ыраахха тиийэ дьиэрэйдэ… Төрдүс долгун… Сиимэ аармыйаттан төннөн кэлэн дойдутугар үлэлии-хамсыы сылдьар. Барыан иннинэ үлэлээбит «Сельхозтехника» тэрилтэтэ эстэн, уол билигин туох үлэ көстөрүнэн хамсанар. Эһиил, баҕар, үөрэххэ туттарсан көрүө. Киэһэ, үлэлээн бүтэн дьиэтигэр баран иһэн, дьон остолобуой киирэр ааныгар үмүөрүһэрин көрөн, «Ок! Бүгүн эмиэ сыбаайба буолар быһыылаах» дии санаата. Ол кэмҥэ остолобуой иннигэр биир мааны массыына кэлэн тохтоото уонна кэлин ааныттан сыбаайбалыыр таҥастаах уоллаах кыыс түстүлэр. Уол кыыһы көтөҕөн ылан киирэр аан диэки хаамта, кирилиэскэ турар дьон күө-дьаа буола түстүлэр, сэлэллэн биэрэн эдэрдэргэ суолу астылар, онтон бары дьиэ иһигэр батыһан киирдилэр. Сиимэ уулуссаҕа соҕотох туран хаалла. Лиля, эригэр көтөхтөрөн ааһан иһэн, кинини аахайбата… Бэһис долгун… «Лиля, дорообо! Бу суругу, баҕар, хаһан эмэ дойдугар кэллэххинэ, миигин санаатаххына, биһиги далаһабыт ордубут дьардьаматыттан булан ааҕыаҥ диэн бүк эрэллээх суруйан эрэбин. Эн билигин мин хайдах да гынан тиийбэт дойдубар олохсуйан олороргун Кыдаанаттан истибитим. Сураҕа, номнуо ыал эбэтэ буолбут үһүгүн… Баҕа санааҥ барыта туоллаҕа… Мин аармыйаҕа сылдьан эн бүтэһик суруккун тутан бараммын эйигин букатынныы сүтэрбиппин олох итэҕэйбэтэҕим. Хайаан даҕаны сирэй көрсөн, быһаарсан бараммын биирдэ тэйиэм диэн санаалаах этим. Онтон сыбаайбалыыр күҥҥэр, кэргэниҥ эйигин мин аттыбынан көтөҕөн ааспытыгар биирдэ, төннүбэт сүтүктэммиппин итэҕэйбитим… «Олох чэпчэки буолбатах» диэбит тылларгын бу отучча сыл устата умнубакка кэллим. Араас моһуоктары туораан, буолар-буолбат эрэйи көрсөн, олохпун бэйэм кыахпынан син оҥосто сатаатым. Онно барытыгар, наар миэхэ тиксибит куһаҕаны эйигиттэн былдьаабыт курдук сананарым. Өскөтүн, ол санаам туолбут буоллаҕына, мин толору дьоллооҕунан бэйэбин ааҕынабын. Кэнники сылларга дьэ киһилии олоруох курдук буолан испитим. Кэргэннэммитим, оҕоломмутум. Онтон бу сайын, ыарытыйаммын, куоракка киирэн көрдөрүммүтүм. Онно миэхэ үтүөрбэт куһаҕан ыарыыны буллулар. Бу кыһыны туоруур кыаҕым суох. Онон, быраһаай, Лиля! Билсибиппит тухары, саҥа таһааран, тапталбар билиммэтэхпин бырастыы гын… Дьоллоох эрэ буол!» Сиимэ суругун суулаата, кураанах одьукулуон бытыылкатын иһигэр укта уонна от күөх хаппаҕынан бүөлээн баран, күөл кытыытыгар сытар болуот тимир буочукаларын быыһыгар кыбытта. Онтон төҥкөйөн, сиртэн биир хаптаҕай тааһы ылан уу үрдүнэн күүскэ кыыратта. Тааһа, уу ньууруттан тэйэ-тэйэ, хас даҕаны долгуну хайытан, ыраахха диэри дайда, онтон, бүтэһик долгуҥҥа кыайтаран, түгэххэ тимирдэ… Кыра кыыс, таас көтөр кэриэтэ көстүүтүн сонурҕаан, хап-хара харахтарын кэҥэтэн көрө турарын Сиимэ харбаан ылла, көтөҕөн баран ыга кууста уонна оҕотун тыбыс-тымныы быллаҕар иэдэһиттэн сыллаан ылла: — Лиля! Чэ, дьиэбитигэр барыах. Ийэбит сүтэрэн эрдэҕэ буолуо… — диэтэ. Анатолий Слепцов, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ * * *

©️ edersaas.ru сайтан

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:31

БУЛЧУТ

Үчүгэй булчут бэйэтигэр эрэнэр саалаах уонна дьоһуннаах быһахтаах буолуохтаах. Мин син дьон тэҥэ бултуубун, бултуйарбынан да киһиттэн итээбэппин. Дьэ онон, оҥостон-тэринэн Аллаҥаҕа Лаппарыйа диэн аатырбыт ууска быһах оҕустара бардым. Тиийбитим, оҕонньорум баар. Кэпсэттибит. Сөбүлэстэ: “Үс хонон баран кэлээр, кэһиилээх”, — диэтэ. Болдьообут кэмигэр тиийдим. Киһим икки харыстаах улахан баҕайы кып-кылабачыгас саха быһаҕын ойутан таһаарда уонна: “Тутан кэбис, туһалыаҕа”, — диэтэ. Тутан-хабан көрбүтүм, былыргы батыйа саҕа эрээри, чэпчэки. Миэхэ сөрү-сөп, олус үөрдүм. Кэһиибин туттаран кэбистим. Оҕонньорум быһаҕын тутан туран алҕаата: “Сытыы кылыһым биитэ сыппаабатын, иччитин маанылаатын, — диэтэ уонна, - атыыр оҕус кутуругун тириитинэн кыынна тиктээр”, - диэн эбэн эттэ. Тойбохойго кэлбитим, дьон сөҕүү-махтайыы бөҕө, алҕаатылар, сууйдулар, соттулар.
Биир сарсыарда булчут, тайахсыт табаарыһым Валентин киирэн кэллэ: “Дьэ, Борукуоппаай, бөөлүүн дьикти түүлү түһээтим. Сибилигин мин сайын оттообут сирбэр Тоһоҕолооххо барыам. Онно биир тайах сайылаабыта. Мин уойдун диэн чугаһаабатаҕым. Ити ыттар сайыны быһа төбөлөрө саллайыар диэри үрбүттэрэ, онон ыкка үөрүйэх буолуо, тэһииркиэ суоҕа. Сарсын Сэмэнэп таҥара, онон тахсан дьаһайыахха, миэхэ тайах билиэтэ баар”.
Дьэ, хомунан бардыбыт. Мин табаарыспыттан Миша Федотовтан чычаас баҕайы хара атын уларыстым уонна тайахсыт, киисчит Ураанньык диэн ыппын сэтиилэнним. Тоһоҕолооххо киэһэлик тиийдибит. Уот оттон сирбитин, эһэкээммитин аһатан, ыттарбытын баайталаан баран утуйдубут.
Сарсыарда халлаан сырдыыта туран сып-сап хомуннубут. Валентиным ыттарын ыыталаан баран: «Чэ, мин бу Баҕадьы күөлүн соҕуруу өттүнэн барыам. Эн хоту өттүнэн бараар. Илин өттүгэр улахан өтөх баар, онно көрсүөхпүт», — диэтэ. Ол курдук икки аҥы бардыбыт. Балай да өр айаннаабытым кэннэ, ыраах илин диэки ыттар үрдүлэр. Ыллык омооно баарынан ону-маны көрө-көрө баран истим. Онтон атын сири көрө истэхпинэ, атым өкөгөр мас анныгар киирэн хаалла. Мин мутуктан үөһэ ыйанан хааллым. Атым бара турда. Иэдээн, саам ыҥыырбар иилиллэ сылдьыбыта. Сиргэ ыстанан түстүм уонна аппын эккирэтээри турдахпына ыттарым саҥалара бу тиийэн кэллэ. Мин быһахпын саныы биэрдим, кыыныттан сулбу тардан таһаардым, аттыбар миэтэрэ кэриҥэ уһуннаах суон мутук сытарын көрө биэрдим. Хата, сиэппэр тирбэҕэ быа баарынан быһахпын угуттан мутугун төрдүгэр кытаанахтык эрийэн баайдым уонна биир суон тиит төрдүгэр саһан сыттым. Ыттарым субу “ар-бур” дэһэн тиийэн кэллилэр; иннилэригэр, били лөкөйдөрө баһын булкуйа-булкуйа, аттыбынан ааһан истэҕинэ, били мутукка баайбыт быһахпынан хаҥас хонноҕун анныгар түһэн кэбистим. Тайаҕым “оох” диэх курдук саҥаны таһааран баран, иннин диэки түһэ турда, ыттарым кэнниттэн сырыстылар. Саҥа өйдөнөн ону-маны көрөн эрдэхпинэ, Валентиным тиийэн кэллэ. Туох буолбутун түргэн үлүгэрдик кэпсээтим. Киһим “атыҥ быатыттан маска иҥнэн турар” диэтэ да тайаҕы сырыста. Мин аппын тутан дьоммун батыстым. Тайахпыт биэрэстэ аҥаара кэриҥин тиийэн охтубут. Киһим, дьэ сөҕөр-махтайар: “Бачча сааспар диэри эҥини көрдүм ини эрээри, манныкка түбэһэ илигим. Ол иһин да дьикти түүлү түһээбит эбиппин”,- диэтэ.
Тайахпытын үчүгэй баҕайытык астаан баран, сороҕун ыырдан, сороҕун сайбалаан баран дьиэлээтибит. Били, быһаҕынан анньыыбар улахан быһаҕым оруобуна сүрэҕин батары саайбыт уонна сүүрэригэр өрөһөтүн дэлби булкуйбут. Ол иһин түргэнник сууллубут. Дьэ, ити курдук дьиибэтик тайахтаан турабын.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:33

Олох барахсан…

Эмискэ уһуктубутум балыыһаҕа сытар эбиппин. Иһим кутаа уотунан умайар. “Туох буоллахпыный?” диэн санаа өйбөр охсуллан ааста. Ону кытары мэйиим глобустуу эргийэн киирэн барда. Куолайым хатаччы кууран кыайан да саҥарбат буолбуппун. Түүнү быһа аһыы утаҕы кэтэрдибитим, тамаҕым куура хаппыт. “Уута” диэн бэрт кыратык иһиллэр-иһиллибэттик саҥа таһаардым даҕаны, аттыбар дьон баара көстүбэт. Бэрт ыарыылаахтык төбөбүн өндөтөн көрбүтүм, иһим барыта бэрэбээски буолбут. Атахпар тура сатаатым да, төбөм ыарыыта ынырык. Сэниэм даҕаны суох. Сотору кэминэн үрүҥ халааттаах сиэстэрэ дьахтар кэлэн инчэҕэй тэрээпкэнэн уоспун сотто. Илиим тымырыгар систиэмэ укуолун анньан баран ханна эрэ барда. Палатабар эмиэ соҕотох хааллым. Бу сытан ааспыт олохпун саныы биэрдим. Сыбаайбам күнүн. Наһаа дьоллоох этибит биһиги. Биһиги барахсаттар. Тапталбынаан Киралыын саамай дьоллоох этибит. Сыбаайбабыт күнүгэр чугас аймахтарбыт, доҕотторбут кэлэннэр бары алгыс маанытын эппиттэрэ, тус олохпутугар дьолу баҕарбыттара. Ол гынан Кирабынаан дьоллоох олоҕу олорботоҕум. Сотору кэминэн киһим наһаа кыыһырар, айманар буолбута. Күн тура-тура ол-бу араас сыыс тылынан киһини сирэй-харах анньар идэлэммитэ. Дьиэ диэхпин дьиэбит баара. Массыына диэхпин массыына эмиэ баара. Үрдүк хамнастаах үлэлээх этибит. Баҕарбыппыт барыта баара. Ол гынан, биһиги этиһэр этиһиибит кыһалҕата атын этэ. Ити барыта биһиэхэ Айыыһыт Хотун оҕо биэрбэтиттэн сылтаан этэ. Хас даҕаны балыыһаны кэрийбиппит. Көрбүөччүлэргэ сылдьыбыппыт. Ол тухары ким даҕаны көмөлөспөтөҕө. Кирам барахсан кыайан оҕоломмот этэ. Кини хаппырыыһын тулуйа сатаан бараммын аһыы утахха ылларбытым. Устунан арыгыга ылларбыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Күн тохтоло суох арыгы иһэр буолбутум. Үлэбэр сүтэрим элбээн киирэн барбыта. Ол иһин соторунан үлэбиттэн көтүппүттэрэ. Эҥин араас доҕор-атас бөҕө аттыбар элбии түспүттэрэ. Биир сарсыарда Кирам малын хомунаат ханна эрэ барбыта. Бу иһэрим тухары Кирабынаан биир-икки тылы кэпсэппэт этим. Кира даҕаны тугу да саҥарбата. Хоһугар киирэн аанын хатанан кэбиһэрэ. Кини хас итирдэҕим аайы саҥата-иҥэтэ суох ытыыра. Билигин сэрэйдэххэ, арааһа, бэйэтин буруйданара быһыылааҕа. Чыычааҕым сыыһа билигин ханна тиийбитэ эбитэ буолла? Мин билигин бу быһаҕынан анньыллан бараммын балыыһа иччитэ буолан сыттаҕым. Оо, олох ыарахаҥҥын даҕаны. Кими эрэ дьолунан толороҕун, кими эрэ хара сорунан сордуугун…

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:34

Сэбиэскэй саҕана

80 сыллардаахха, тэлэбииһэртэн атын мал суох кэмигэр, дьон кулууп аанын саппат буолара. Ол курдук араас кэнсиэртэри, спекталльары кытта холонон оонньоон көрдөрөллөрө. Оннуа биир спектаклҕтан быһа тардан көрдөрөн артыыстарбыт отой ууларыгар-хаардарыгат киирэн оонньуу сырыттылар. Саала иһэ уу чуумпу. Гражданскай сэрии саҕанааҕы кэми көрдөрөллөр. Биир ыал аҕата Хонооһой ревком оруолун оонньуур, билиэн түбэһэр, үрүҥнэр ытаары ампаар таһыгар туруораллар Хонооһой “өлүөн” иннинэ уохтаах-күүстээх тыл этэр. Арай ол кэмҥэ сиргэ олорооччу оҕолорго уола Миисиккэ сарылыы- сарылыы сыанаҕа ойон тахсан, а аҕатын атаҕын кууһар сытан маннык саҥалаах буолат:" Аҕабын өлөрүмэҥ! Кини өллөҕүнэ хотоммутун ким көрүөй?!
Итинник дии дии ытаан ыгыстар, аҕата хайдах да буолуон билбэккэ туран этэр: " Тойуом, Миисиккээ, түс-түс… өлөн бүттэхпинэ баран хотоммун көрүөм. Эмиэ биир оннук бандьыыттаах спектаклга, биир күрүөйэх бандьыыт сүүрэн киирэн оһох ойоҕоһугар саһара көстөр. Ону ирдээн кыһыл байыас хаһытыыр:" Өстөөх ханна саһан сытаҕын? Син биир булуом! Таҕыс! Итинник диэн сарылыырын кытта саалаҕа биир эмээхсин өмүрэн ыһыллан турар:" Оһох кэннигэр, оһох кэннигэр!- диир уонна ыйан көрдөрөр. Биирдэ ньиэмэстэрдээх киинэ буола турар. Бөһүөлэк олохтоохторун ытаары бэлэм тураллар. Ол кэмҥэ электрик Сааска диэн киһи хойутаан киирэн, олорор сир көрдүүр. Онтон сыана кэнниттэн олоппос ыла баран иһэн, хараҥаҕа көрбөккө экран туора тимириттэн иҥнэн сууллан тыас уус бөҕө буолар. Ол кэмҥэ ньиэмэстэр ытыалыыллар, ону көрөн ыксаабыт Маайа эмээхсин хаһыыта иһиллэр:" Илиэһэйдэр электрикпитин эмиэ сиэтилэр!
Ол кэмҥэ дьон хас киинэни барытын сүрэхтэригэр ылынан көрөлөрө. Киинэ буола турар. Икки сөп соҕустук аһаабыт атастыылар көрө олороллор. Бу бириэмэҕэ киинэ героинята роддомҥа төрүү киирэр. Ону көрөн олорон Бүөккэ атаһыгар этэр:" Ээ, ити тётя өр төрүөҕэ, билбит баҕайым, хата били билибитин тэп гыннаран киириэххэ. Үчүгэй киинэлэргэ миэстэ былдьаһык буолара. Биир оннук киинэ буолаары турдаҕына нуучча уолаттара киирэн ханна миэстэ баарын көрөллөр. Ваня таһыгар биир миэстэ баарыгар биир уоллара кэлэн олоробун дуо диэн ыйытар. Ону биһи киһибит хардата маннык буолбут:
Занято здесь Коля живёт!
Урукку кэмнэр быыстарын арыйсан көрбүккүтүгэр махтанабын! Үүммүт күҥҥүт кэрэ эрэ буоллун.
Нөнүөһэ

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:46

Хайаан да көрсүөхпүт

    Бахсыытап Бүөккэни биһиги оскуолабыт кыргыттара бары таптаан сордоноллоро. Ол Бүөккэлиин биһиги кыра эрдэхпититтэн бииргэ улааппыппыт. Этэргэ дылы, биир тиэстэттэн мэһиллибиппит. Куукулалаах да, сэриилэһэ да тэбис-тэҥҥэ оонньуурбут. Ити буолан, сыыҥын-сыраанын алтыс кылааска диэри соһон сордоммут, куруук аттыбар баар, сынтаҕар муруннаах ордуос майгылаах Бүөккэни мин эрэ көннөрү доҕор-атас быһыытынан ылынар быһыылааҕым. Алтыс кылаас кэнниттэн дьоно атын улууска көһөр буолбуттара: аҕатын атын үлэҕэ анаабыттар этэ. Сүөһүлэрин эбэлэрин аахха хааллартаан, биир үтүө күһүн сус гынан хаалбыттара. Бүөккэ барарыгар мас саатын, биир туһаҕы уонна күөх өҥнөөх эрэһиинэ мээчиги, миэхэ, ыкса доҕоругар, өлүүлээн хаалларбыта, харыстаан илдьэ сылдьарбар, оонньуурбар эппитэ. Уонна: «Туйаарыс, эн биһикки улаатан баран хайаан да көрсүөхпүт дии»,— диэбитэ. 
    Мин, саа бэлэхтэтэн, эбиитин ымсыырар күөх мээчикпэр тиксэн, доҕорум барбытын баардылаабатаҕым, хата, улаханнык байбыт-тайбыт саҕа санаммытым.
    Тоҕотун билигин да билбэппин эрээри, Бүөккэни ол кэнниттэн наһаа өр көрбөтөҕүм. Оскуоланы этэҥҥэ бүтэрэн Дьокуускайга пединститут устудьуона буоллум. 
    Оччолорго олоҕум олус интэриэһинэй этэ. Саҥаттан саҥа күн элбэҕи эрэннэрэрэ, эдэрим да бэрдэ, эмиэ дойдубар тахсаары, саҥа таҥас кэтээри сайын ыһыаҕы күүтэрим. Билигин эмиэ бэс ыйа, ыһыах үгэнэ…
    Бастакы кууруһу этэҥҥэ түмүктээн, дьоммун, дьүөгэлэрбин олус ахтан-суохтаан дэриэбинэм ыһыаҕын баттаһа сайылыы кэллим. Ахтыспычча, барыларын кытта биир күн иһигэр төлөпүөннэһэ, билсэ оҕустум. Бииргэ үөрэммит кыыһым Октюшка дэриэбинэ кэккэ сонунун уонна да араас «бэстилиэнэй» бириэмэҕэ буолбут хобу-сиби төрдүттэн баһыгар диэри сиһилии кэпсээтэ; ити быыһыгар Бахсыытап Бүөккэ диэн кылааһынньыкпыт соторутааҕыта аҕай куораттан кэлбитин, «Волга» массыыналаммытын, улаатан, өссө тупсубутун туһунан эттэ. Мин ол хас биирдии кэпсээн аайы: «Айуу чэ, бүттэхпит дии» диэн үгэргии-үгэргии, күлэн саһыгырыы олордум. 
    Аны ол Бүөккэбит нэһилиэстибэ гынан бэлэхтээн хаалларбыт саатын-мээчигин ирдэһэ кэлэрэ буолуо диэн, мүчүк гына-гына, дьээбэҕэ, аҕабыттан ыйытабын. Сааны дьонум былыр үйэҕэ саһаҕа оҥостон умаппыттар; туһах ампаар үрдүгэр баар буолуон сөп курдук, оттон мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытарын бэстилиэнэйин былырыын көрбүттэр. 
    Ыһыах күн маҥан сарапаан кэтэн, ытыахпар диэри ыга киэргэнэн, түһүлгэҕэ киирдибит. “Кыракый оҕолор улааппыттар аҕай” дии-дии ураһа таһыгар кэнсиэр көрө олордохпутуна, биир уол гитаралаах тахсан ырыа ыллаата. Кыргыттар саҥалара, ыһыылара-хаһыылара өрө кыынньа түстэ, онтон-мантан «О, Петя, наһаа астыктык ыллыы-ыыр…» эҥин диэн курдук этиилэр иһилиннилэр. Оттон мин бу сынтайбыт Бахсыытап турар үһү дуо, ама, диэн атыҥырыы санаатым. Уп-уһун уҥуохтаах, сып-сырдык сэбэрэлээх, уһун чуолкатын «сексуальнай баҕайытык» туора тараан кэбиспит, олус истиҥ куоластаах уолу ис-испиттэн долгуйа, көрө олордум. 
    Киэһэ дэриэбинэттэн тэйиччи баҕайы сиргэ ат сүүрдүүтэ буолар үһү диэтилэр. Октюшкалаах Бүөккэ массыынатынан бараллар үһү, миэстэ хайыы-үйэҕэ туолбут. Октюшкам миигин баар диэн кыбыппатах, эх… дьүөгэм буолуохсут! Мин испэр массыынаҕа баппаппыттан уонна миигин хаалларан баралларыттан улаханнык өһүрэ, «өссө киһи табаарыһын Бүөккэни табаарыс оҥосто охсубут буола-буолалар» диэн күнүүлүү санаатым. Инньэ гынан, сатыы да буоллар, бэйэм курдуктары кытта булсан, дэриэбинэттэн тахсар быыллаах суол устун хааман истибит. Кыһыйыам иһин, били, Бүөккэ массыыната ситэн ааста, эбиитин түннүктэн үөрэн дьабаспыт сирэй бөҕөтө көстөр, биллэн турар, киһиргээбиттэр аҕай. Ат сүүрдүүтүттэн, саатар, биир да матассыыкылга баппакка, санаам бүтэһиктээхтик алдьанан, саамай хойут, дэлби сылайан дьиэбэр кэллим. «Үҥкүүлүү барбаппын-хайаабаппын!» диэн Октюшкабар этэн, утуйаары сууна-тараана сырыттахпына, таһырдьаттан ийэм киирэн: «Эйиэхэ ыалдьыт кэллэ, күүлэҕэ таҕыс», — диэтэ. Хайалара бэһирбит буоллаҕай, син биир ханна да барбат инибин диэн саныы-саныы дьиэҕэ кэтэр, арыы таммалаабыт кыһыл футболкабын, тобуктаммыт, эбиитин онтуката икки сиринэн хайаҕастаммыт күөх ыстааммын кэтэн ыалдьыппар тахсыбытым, били, мааҕын ыһыахха ыллаабыт мааны уолум барыта кулгаах-харах буолан хоройон олорор эбит. Чуут төттөрү ыстаныах киһини уолум: «Туйаарыс-муйаарыс, бэрэбиэт, тоҕо билбэтэҕэ буола сылдьаҕын дыа? Кэпсэтиэ диэн күүтэ сатаан кэбистим, улаатан улахамсыйбыккын быһыылаах, һэ-һэ», — диэн күлэн тохтотто.
    Ол күнтэн ыла мин саныыр-санаам барыта кини, Бахсыытап Бүөккэ эрэ буолбута. Кини миигин көннөрү оҕо сааһын дьүөгэтэ, дьээбэлээх уонна сэриилээх оонньууну сатыыр кыыс курдук сыаналыырыттан, истиҥник, ол эрээри чахчы доҕордуу эрэ сыһыаннаһар дии санаан хомойорум. 
    Бүөккэ сотору-сотору миэхэ ыалдьыттыы киирэр буолбута. Уруккубутун, оҕо сааспытын, биир саастыылаахтарбытын кэпсэтиһэрбит. Була сатыы-сатыы мин киниэхэ төлөпүөннүүрүм. Арааһа, кини эмиэ. Юрий Шатунов саҥа кассетатын истээри миигиттэн магнитофон уларсара, оттон мин киниттэн кассетатын ылар буолбутум. Күнү быһа от үлэтэ үтүрүйэн, киэһэ эрэ көрсөбүт. Биирдэ туран оҕолору мунньан моонньоҕоннуу бара сылдьыбыттаахпыт. Онно Бүөккэ тигээйи уйатын алдьатан, бары тигээйигэ тиктэрбиппит. 
    Сайын түргэн баҕайытык ааспыта. Атырдьах ыйын ортотугар Бүөккэ, эбэтин ааҕы кытта оттоспута буола сылдьан, аҕата ыалдьыбытыгар куораттаабыт аатырбыта. Бараары эрэ сылдьан төлөпүөнүнэн: «Эн уларыйбыккын аҕай, мин табаарыс оҥосторбун дуу, невеста оҥосторбун дуу быһаарыммакка сылдьабын ээ, Туйаарыс. Чэ, мин ыксаатым. Көрсүөхпүт, хайаан да…» — диэбитэ. Олус да дьоллоох этим. Бүөккэҕэ субу кэргэн тахсан эрэбин диэн үөрбүтүм баара. Дьылҕабыт оннуга эбитэ дуу, Бүөккэ мин дьиэбэр суох кэммэр иккитэ төлөпүөннүү сылдьыбыт сурахтааҕа. Күһүн куоракка киирэн баран, уопсайбар (эмиэ суох кэммэр) хаста да кэлэн барбытын истибитим. Саатар, төлөпүөн да, саппыыска да хаалларбат этэ. Саҥа дьылга, баҕар, Бүөккэ кэлиэ диэн, эмиэ дэриэбинэҕэ таҕыстым. Суоҕа. 
    Онтон Маай бырааһынньыгар болуоссакка кэнсиэр көрө сылдьан Бүөккэбин көрсө түспүтүм. Үөрүүбүттэн уонна долгуйан хааламмын, умса көрөн туран дорооболостубут. Кини эмиэ олус дьолломмут этэ уонна табаарыстарын кытта маевкалыы баран эрэрин, ыксыы сылдьарын туһунан эппитэ. Сарсыныгар болуоссакка күнүс 3 чааска көрсүөх буолбуппут. Дьоллоох сарсыным үүммүт сарсыардатыгар эдьиийим оҕо көрдөрө ыҥыран баран маҕаһыыҥҥа барбыта уонна дьүөгэлэрин барытын кэрийэн, бырааһынньыктаан киэһэ хойут кэлбитэ. Инньэ гынан эмиэ сүтэрсибиппит.
    Эһиилигэр, эмиэ сайын, Бүөккэ эбэтигэр ыһыахтыы кэлбитэ. Соҕотох буолбатах, саҥа кэргэнинээн. Бахсыытаптар уоллара омук тыла үөрэхтээх кийииттэммиттэрин туһунан дэриэбинэҕэ киэмсийэ кэпсииллэрэ. Ол аайы мин хоспох кэннигэр тахсан, мас дьааһык үрдүгэр олорон оту тырыта тыыта-тыыта ытыырым… 
Бүөккэ кэргэнэ үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ дэриэбинэҕэ көһөн кэлбиттэр сурахтааҕа. Оттон мин дьиэбэр тиийдэхпинэ даҕаны икки хонуктан өр олорбоппун уонна ол өрдөөҕү сайын кэнниттэн ыһыахтыы иликпин. 
    Октюшка эмиэ кэргэн тахсыбыта, дэриэбинэҕэ олоро хаалбыта. Мин тиийдэхпинэ, киниэхэ хайаан да ыалдьыттыыбын. Араас сонуну истэбин. Таарыйа Бүөккэ хайдах олорорун туһунан сири аннынан ыйыталаһабын. Кини кэлин олус ытыктанар киһи буола үүннэ, аҥаардастыы хайҕааччы да, кириитикэлээн эрэ тахсааччы да баарын истэбин. Бэйэм өйбүнэн-санаабынан, ис дууһабынан кини диэкибин, кини киэнэбин…


    Бүөккэҕэ тапталбынан син уһун кэмҥэ олордум. Баҕар, куһаҕан дьахтары таптаабакка ылбыт буоллаҕына, хайаан да арахсыаҕа диэн күүтэ саныыр этим. Акаары баара… Бокулуонньук бөҕө тапталын сиргэ-буорга халтай тэпсэрим, элэк оҥосторум. Онтум билигин талбыт курдук тойон, чыын-хаан бөҕө буолан олороллор. Кэлин сааспын баттаһа биир преподаватель киһиэхэ, син сөбүлээн, кэргэн тахсыбытым; үс кыыс оҕолоохпут, үһүөн оскуола оҕолоро. Куоракка дьиэлээхпит, даачалаахпыт. Туохпут барыта ситэн-хотон эмиэ да киһи ымсыырар ыала буоллубут. Кэргэммин кытта толору дьоллоохпун диэбэтэрбин да, син олоробут. Ол эрээри, ити сүүрбэттэн тахса сыллааҕы тапталбын бүгүн да кыыс оҕолуу күндүтүк уонна курустук саныыбын. 
    Арай мин Бүөккэҕэ симик тапталбын эппит, бэйэтин көрдөөн булбут буолуум? Куораттааҕы төлөпүөнүн туормастыы олорбокко, эбэтиттэн да ыйыталаһан ылбыт буолуум?.. Эдэр уонна кыбыстанньаҥ майгым мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, билигин хайдах олохтоох-дьаһахтаах дьахтар буолуом этэй диэн кистээн таайа саныыбын.
Күөх мээчик хоспоххо бөх быыһыгар сытар буолуохтаах. Мин хайаан да мээчикпин булуом. Тоҕо эрэ мээчикпин буллахпына, Бүөккэбин эмиэ булабын диэн бүтэйдии саныыбын. 
Быйыл дэриэбинэҕэ үбүлүөйдээх ыһыахха ыҥырылынныбыт. Хайаан да көрсөр буолуохтаахпыт. Бүөккэ кэргэнэ эмиэ баар буолуохтаах, оо, дьэ…


    Сааһырбыт дьон кыра оҕо курдук тапталлаах оонньуура баар суол. Бастакы тапталы хайдах да умнан суох гынан кэбиспэккин дииллэрин сорох ылыныа суоҕа. Ол эрээри диирбитигэр тиийэбит. Үс улахан, биир эһээкий оҕолоох, дьоллоох Бахсыытаптар дьиэ кэргэннэрэ үс сыл аннараа өттүгэр үөскээбитин хайдах да таайыа суох этигит. Бу ыал ийэтэ Туйаара соторутааҕыта Дьокуускайдааҕы төрүүр дьиэттэн таҕыста.

Светлана ТИМОФЕЕВА

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
03.11.2022 19:47

БАСТАКЫ УЛАХАН БУЛТАРЫМ

1991 сылы көрсө кэргэним дойдутугар,Бүлүү улууһугар,Үгүлээккэ көһөн кэлбиппит. Дэриэбинэҕэ үлэ суох,онон “Амыһаахха үһүс киһинэн сылгыһыттыы бараҕын”,-диэн буолбутугар,мин Амыһаах булдунан-балыгынан аатырарын истэ-билэ сылдьар буоламмын,тута үөрүүннэн сөбүлэспитим.Амыһаах диэн сир–Үгүлээттэн 80-ча биэрэстэ тэйиччи сытар,хоту диэкки тардыылаах буолан ото-маһа эмиэ ол тэҥэ,өрүс үрдүнэн эрэ халлааҥҥа харбаспыт тиит быыстаах харыйа тэҥкэлээх,уоннааҕыта төһөннөн хоту диэкки бардаҕыҥ аайы кыччаан-оччоон,сорох сиринэн отой даҕаны хастыы да биэрэстэ курдары көстөр толоон,ээй дойдута буолан барар.Былыр-былыргыттан манна элбэх киһи өрүһү бата,ону кытта улахан да,кыра да күөллэригэр төгүрүйэ өтөхтөрүнэн тарҕаһан,сорохторо сүөһү,сылгы ииттэн,онтон сорохторо аҥардас булдунан-балыгынан эрэ ииттинэн олорбуттар.Кэлин Амыһаах өтөҕөр кииннээн “М.Горькай"аатынан колхуос тэриллэн,элбэх киһи бииргэ мустан,төбүрүөннээн олорон,үлэлээн-хамсаан ааспыт буолан,бэйэтэ туһунан дириҥ-киэҥ устуоруйалаах,сүдү дойду буолар…Сирин иэнэ сүрдээх киэҥ, хотулуу-арҕаа өттүгэр Өлөөҥҥө диэри,оттон хотулуу-илин өттүгэр Эдьигээҥҥэ диэри,хас эмэ сүүһүнэн биэрэстэҕэ биир да атын дэриэбинэ диэн суох.
Сылгыһыттар олорор дьиэлэрэ быһа холоон 6 х 6 кээмэйдээх, ортотугар улахан,тимир буочука оһохтоох,уруккута лааппы эҥин буола сылдьыбыт,үрдүк өһүөлээх,эргэ дьиэ. Дьиэни холбуу аҥар өттө аһаҕас,эбиэс угар тутуулаах,дьиэттэн чугас сээкэй угар уонна арыый да тэйиччи соҕус икки булуус ампаардара тураллар.Ити кэннэ күрүөттэн-хаһааттан ураты атын тутуулар суохтар,дьиэ улахан,үрдүк өтөххө турар.Көрөр сылгыларбыт ахсаана 200-кэ төбө, түөрт мииниллэр ат баар эбит.Салайааччыбыт Туолуй диэн ааттаах,ол саҕана 50-чалаах,эдэригэр бэйэтин лаппа соҕус кыанар буолан,сырыыны да сылдьыбыт, булду да элбэхтик бултаабыт,элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх,бэрт сытыы-хотуу сирэйдээх-харахтаах сааһыран эрэр киһи.Кини кэпсиир киһитэ дуу,кыыла дуу хайдах туттубутун-хаптыбытын үүт-үкчү үтүктэн,бэрт көрүдьүөстүк кэпсиир-ипсиир ураты дьоҕурдаах киһи.Иккиспит Бааска диэн ааттаах,ол саҕана отуччалаах эрэ,элбэх саҥата суох,турбут-олорбут,биир кэм тугу эрэ үлэлээн букунайа,бүтэрэ-оһоро сатыы сылдьар,биирдэ көрбүтүн хаһан да умнубат дьоҕурдаах уонна сири-уоту сылыктаан билэр,сүрдээх булчут-балыксыт эдэр киһи.
Амыһаах дэриэбинэттэн ыраах,сайыннары сылдьар суола-ииһэ суох буолан эбитэ буолуо,атын сирдэргэ холоотоххо,ол саҕана сүрдээх бултаах-алтаах,элбэх араас балыктаах дойдуннан биллэрэ…Өтөхпүтүттэн көс курдук холобурдаах сиринэн Бүлүү Эбэ хаҥас салаата,ыраас уулаах,дириҥ чүөмпэлэрдээх “Түҥ” өрүс араастаан эрийэ-буруйа уста сытарыгар уонна элбэх ахсааннаах элгээн да,тыа да күөллэригэр көмүс хатырыктаах арааһынайа,туора үрэхтэр бастарынан уонна халыҥ аар-тайҕатыгар булт-алт,көтөр-сүүрэр эҥинэ-бэйэлээҕэ сөбүлээн үөскүүр-ууһуур,тохтоон тоҕуоруһар сирэ эбит этэ.

БАСТАКЫ УЛАХАН БУЛДУМ

хара тыа маанылаах кыыла бэдэр (үүс)

Бастаан кэллэҕим утаа,сотору соҕус буолаат,биир үтүө күн Туолуйу кытта ат миинэммит сири үөрэтэ таарыйа,сылгы көрө диэн бардыбыт,онно-манна сылдьа түһэн баран төннөн иһэммит,биир сиргэ кэлэн куобах ороҕунан туох эрэ сылдьар эбит дуу дии санааммын икки нүөмэрдээх,биир бууттаах,бэйэбин кытта илдьэ сылдьар соҕотох чаархааннаахпын иитэргэ сананным, бу дьэ,үйэбэр бастакы чаархааны иитиим этэ,онон долгуйуу эҥин бөҕөтө…Халлааммыт боруҥуйан эрэр,саатар улахан уопуттаах булчут,Туолуй хас хамсаныыбын ат үрдүттэн көрөн олорор,“дьэ-дьэ”,– дии-дии, хайдах иитэрбин көрөн сотору-сотору күлэн тоҕо ыстанар,ол быыһыгар эмиэ да сүбэ-ама биэрэр,онтон”чэ-чэ барыаҕа,Байанай биэрдэҕинэ,иҥнэрэ кэллэҕинэ көстө да сытарга иҥнээччи”,–диэтэ уонна сирэйин ньуххана-ньуххана сонньуйан ылла…Мин буоллаҕына бэрт эрэйинэн да буоллар чаархааммын син ииттим,үрдүтүгэр онон-манан хаары абыгынаппыта буола түһээт,салгыы айанныы турдубут…
Арай,ол түүн түһээтэхпинэ биир этиэхтэн кэрэ бэйэлээх,саха диэҕи саха буолбатах,нуучча диэҕи нуучча да буолбатах,арааһа хайаҕа олохтоох,хара омук нууччаны кытта булкуспута хааннаах кыыс быһыылаах,тастан түннүгүнэн тоҥсуйар,дьиэҕэ киирэ сатыыр курдук…Сарсыарда тураммын дьоммор кэпсээтим,дьоннорум”дьэ,ол Байанай сүрэ”,–дэстилэр,ол гынан баран били бэҕэһээ”дьаабылаан” ииппит чаархааммар туох эмит иҥнибитэ буолуо диэн санаан да көрбөтүбүт.Иккис түүммэр эмиэ оруобуна бэҕэһээ түүлбэр көстүбүт кэрэ кыыһым эмиэ көһүннэ,түннүгүнэн тоҥсуйа-тоҥсуйа тугу эрэ этэ,дьиэҕэ киирэ сатыыр курдук…Сарсыарда туран эмиэ дьоммор кэпсээтим,дьонум”арааһа туох эрэ иҥнибит быһыылаах чаархааҥҥар”,–дэстилэр.Туолуйдуун били чаархаан ииппит сирбитигэр тиийэн көрбүппүт,оруобуна ол сирбитинэн сылгы үөрэ хаһан аһаан ааспыт,ол аттынааҕы сири бүтүннүү үлтү тэпсэн кэбиспиттэр,саараама туох да көстүбэт оҥорбуттар,манан быһыылаах этэ дии санаабыт сирбитинэн барытынан хаары хаһыйан көрдөөн көрдүбүт да мэлийдибит,чаархааным отой көстүбэтэ.Туолуйум ”арааһа сылгыны ылбыккын быһыылаах,онтуҥ илдьэ барбыта буолуо”,– диэн,эмиэ күлэн быара суох барда.Көрдүү сатаан баран булумуна дьиэлээтибит…Киэһээ утуйаары сытан дэлби санаа бөҕөтүгэр түстүм"сылгы иҥнибит буоллаҕына дьэ иэдээн,күлүү оҥостон сордууллар эбит,ол сылгы чаархаанын бырахпыта дуу,суоҕа дуу,өллөҕүнэ отой да иэдээн, төлөтүөхтэрин да сɵп курдук эбит”,–итинник араас санаа-оноо үүйэ-хаайа тутта…Ол түүн кыыһым эмиэ көстөн ааста,оннук түүн аайы көстɵр буолла,дьиэҕэ киирэ сатыырын тохтоппот,дьоммор ону олох эппэппин,күлүөхтэрэ дии санаан…Оннук нэдиэлэ курдук ааста,онтон арай биир түүн түһээтэхпинэ били нэдиэлэни быһа көстүбүт кыыһым түннүгүнэн эмиэ көрөн ахан турар эбит,өссө миигин илиитинэн бэйэтигэр ыҥырар курдук,ый сырдыгар чуолкай баҕайытык көстөр,сүрдээх кэрэ сэбэрэлээх эбит,эбиитин өссө сыгынньах түөстэрин мөтөтөн көрдөрөн ымсыырдар курдук эҥин…Сарсыарда тураммын туох баарынан дьоммор кэпсээн биэрдим,түүн аайы көрөрбүн эмиэ эттим…Бу сырыыга Бааска тулуйбата «баран көрүөх»,–диэтэ.Били сирбитигэр тиийэн, киһим сылгы хаһыытын эргийэн көрөн баран”туох эрэ иҥнибит быһыылаах”,–диэтэ уонна атын мииммитинэн ойуур диэкки сулбу хаамтаран киирэн бара турда,мин туран киһибин кэнниттэн батыс.Ол иһэн эмискэччи Бааскам ата туора ойдо,онно көрө түспүтүм иннибитигэр чугас баҕайы,хаһан да харахтаабатах маанылаах кыылым,бэдэр (үүс) чаархааммар иҥнэн,мөхсө ахан олорор эбит. Дьэ,туттуу-хаптыы кытаанаҕа диэн манна буолла… Аппыттан ыстанан түһээт,тобуктуу түстүм даҕаны кыылбын сүүскэ ыттым,сүүрэн тиийэн тирээн туран өссɵ биирдэ “уган” ыллым.Бааска үүспүтүн тутан-хабан көрөн баран “улахан, атыыр эбит”,–диэтэ…Бу бастакы улахан булду бултааһыным этэ,хайдахтаах курдук үөрбүтүм буолуой эдэр,саҥа бултаан эрэр киһи…Ол кэннэ түүлбэр көстөр кэрэ кыыһым сүтэн хаалбыта.

БАСТАКЫ ТАЙАХПЫН БУЛТАҺЫЫМ
Эмиэ бу дьыл күһүнүгэр, балаҕан ыйын 10 күнүгэр Бааска биһикки дэриэбинэҕэ барабыт диэн буолла.Сайыҥҥы өттүгэр дэриэбинэҕэ “Түҥ” өрүһүнэн,уу мотуорунан сылдьабыт.Ыһыах кэнниттэн тута кэлбит,икки ыйтан ордук Амыһаахха сылдьыбыт,сайылаабыт буоламмын дьоммун ахтыбытым сүрдээх…Кэһиигэ диэн уопсайа сүүсчэ кустаахпыт уонна аара баран иһэн соболуохпут диэн Амыһаахтан Оонньуурга (уу мотуора тиксэр бириистэнэ) үс атынан сарсыарда эрдэттэн айаннаатыбыт,Туолуйбут биһигини атаара,аттары төннөрө барыста.Аара Бааскабыт “Үүнэкээн” диэн,өрүспүтүттэн отой чугас баар күөлгэ собо “маарылыы”(илим үтэн баран тыыннан үүрэн ылыы) хаалла,биһиги Туолуйдуун ааһа турдубут.Суол былаһын тухары Туолуйум хайдах тайахха үөмэри кэпсии-үөрэтэ испитэ,”дэриэбинэттэн кэллэххитинэ тайахтыахпыт”,–диир, дьэ онно ыт үрдэҕинэ хайдах курдук холкугар түһэн,тарбаххын айаххар уган ылан,үөһэ тутан тыал хайа диэкиттэн үрэрин быһааран,ыт үрэр сиригэр отой тыаһа суох,сыккын биэрбэккэ чугаһыахтааххын уонна хас тайах,ханан хааһан турарын быһааран,ким ханныгы ытарын быһаарсан баран ытыахтааҕыҥ эҥин туһунан,бэрт элбэҕи кэпсээтэ.”Сүрдээх ыксамыр дьон баар буолаллар,дьэ ол куһаҕан,эйигин эмиэ бэрэбиэркэлиэхпит”,-диир уонна мин диэкки тургутардыы көрөр-истэр.Мин тайаҕы бултуу иликпин,онон этиллэр тыллары сыыска-буорга түһэрбэккэ буола сатыыбын,сүрдээҕин сэҥээрэн истэбин.Ол истэхпитинэ өрө эмискэ,чугас баҕайы ыттарбыт үрдүлэр, Туолуйбун көрбүтүм,сибилигин аҕай күлэ-үөрэ,бэрт холкутук кэпсии-ипсии,куолулуу испит киһим улаханнык уларыйан,долгуйан,мэктиэтигэр сатаан да саҥарбат буолан хаалбыт…Атыттан ыстанан түһээт,мин саам үрдүгэр түстэ(бэйэтэ саата суох,“тугум эмиэ чэҥкээйитэй”,–диэн хаалларбыта).”Cааҕын аҕал,чэ түргэнник”,–диир,тутан баран отой ыыппат,мин тайаҕы бултуу илик киһи ытан көрүөхпүн,табылыннаҕына бултуохпун даҕаны төһө да баҕардарбын,“аны сыыһа туттан куоттаран кэбиһэн иэдээн буолуо”,–дии санааммын саабын киһибэр биэрдим,үс эрэ сүнньүөхтээхпит,онтон атын ботуруоммут суох,иккини саам уоһугар уктум,биири киһим түөс сиэбигэр уктум уонна “дьэ кытаат”,–диэтим.Туолуйум били бэйэтэ кэпсээбитин курдук тыалы эҥини быһаара барбата, ыттар үрэр сирдэрин диэки ныкыччы соҕус туттан баран,олох сүүрүүннэн киирдэ,мас тыаһа барчаланан олорор,мин кэнниттэн түһүнэн кэбистим.Киһим сүүрэн иһэн эмискэ тохтуу биэрдэ да иккитэ ытан субурутта.Мин сүүрэн иһэр омуммар киһибэр кэтиллэ сыстым.Туолуйум мин диэки хайыһаат хаһыытаан тоҕо ыстанна-«ботуруоннаа-а-аа»,сирэй-харах отой ынырык,мин соһуйан хааллым уонна нэһиилэ ыган «ма-манна баар»,–диэн киһим түөһүн сиэбин ыйдым. Киһим дьэ “маат-муут”,–бөҕө буолан,ыксаабыт санаабар бэрт уһуннук,түөс сиэбиттэн сүнньүөҕүн ылан,ииттэн баран ытаары атын чыыбыһын тардан кэбиһэн,умса туруйалаан,түөрт атах буола түстэ,саабыт ыраах эһилиннэ.Аттыбытынан биир тайах сүүрэн ааһан истэҕинэ,сиргэ сытар сааны сулбу тардан ыламмын,тайах диэкки туһаайа тутаат чыыбыспын тардан кэбистим,ону кытта саа тыаһа өрө хабылла түстэ,биһиги дьолбутугар тайахпыт сонно умса хоруйа түстэ.Туолуйум сытан эрэн хата хамаандата сүрдээх “сити курдук, маладьыас,ытан ис,аны биирдэрин ыт”,–диэн хаһыытыыр.Мин киһибин туруораммын”биирдэрин мааҕын эн охторбутуҥ,ол сытар”,–диэн ыйан көрдөрдүм.Туолуйум сүүрэн тиийэн тайах үөһэ олоро кэлэн түстэ уонна сүрэҕин туһунан туттан баран «һуу да һуу»,–диэн уоскуйа сатыы олордо… Мин үйэбэр бастакы тайахпын бултаспыт киһи үөрүүм сүрдээх,долгуйуу да ханна барыай,ол эрээри Туолуй үйэтигэр элбэхтэ бултаабыт киһи диэтэххэ улаханнык долгуйбутун көрөммүн сүрдээҕин диэн сөхпүтүм…Уоскуйан,кэпсэтэ-кэпсэтэ,күлсэ олордохпутуна Бааскабыт сүгэтин туппутунан тиийэн кэллэ.Кини киһи ыттар үрэллэрин,саа тыаһын истэн,барытын сэрэйэн,сылыктаан билэ сылдьар эбит.Үһүөн үөрэ-көтө тайахтарбытын астаабытынан бардыбыт,Туолуйбут холкутугар түһэн “тайаҕы маннык астанар баҕайыта”,–диэн эмиэ салгыы көрдөрөн-үөрэтэн киирэн барда…
Дьэ,ити курдук Байанайбыт дьиэҕитигэр-уоккутугар,дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр кэһиилээх барыҥ диэбит курдук,анаан-минээн улаханнык маанылаан турардаах…
Аан маҥнай булка-алка үөрэппит,сири-уоту көрдөрбүт киһим–Туолуй барахсан күн сириттэн суох буолбута ыраатта,онтон Бааска баар,билигин даҕаны булт соноругар сылдьар…

Байрон Иванов.
Үгүлээт.16.01.2017.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
04.11.2022 17:51

Эмээхсин кехсугэ анньыбыта.

« Айма5ым дьахтар миэхэ манныгы кэпсээбитэ. Хас да сыллаа5ыта кини эдьиийин эбээтэ елбут этэ. Елуен биир сыл иннинэ эбээлэрэ сытан тахсыбыта ону мин айма5ым баран керсер этэ. Эмээхсин киниэхэ наар махтанара уьу. Эбээлэрин бохоруонатын кэнниттэн айма5ым дьахтар кинилэргэ хоно сыппыт. Кеннеру кыара5ас хрущёвка квартира буолан, расклодушка5а утуйбут. Хос аана суох, тута керудуер кестер. Арай прихожка5а атах тыаьыттан уьуктан кэлбит. Харана5а керде5унэ, арай, субу а5ай елбут эбээлэрэ, илиитин ууммутунан, кини диэки кэлэн иьэр уьу! Мэктиэтигэр, тымныы иин салгына анылыс гыммыт. Дьахтар кэннинэн чугуйан, истиэнэ5э тиийэн иннибит. Эмээхсин, ыга кэлэн барар, эппит: «эн учугэйдик олоруон ! Маннык киьиэхэ кэргэн тахсыан»,-диэн баран , ол киьи аатын эппит. Уонна, сирэйэ эмискэ ба5айы уларыйан баран , эппит:«Чэ, уонна миигин сыллаа!». Дьахтар кутталыттан туох да диэбэтэх. Онуоха эмээхсин илиитин уунан баран, тиэрэ хайыспыт дьахтар кохсун лаппаакыларын икки ардынан тойон эрбэ5инэн куускэ аспыт.
Айма5ым дьахтар ол кохсугэ анньыллыыттан уьуктан кэлбит. Онтуката барыта илэ-бааччы курдук буолбут. Кохсо ньуолуйэрэ, мал-сал хайдах турара-барыта туул буолбата5ын курдук уьу… Оссо эбиитин ол айма5ым кэргэнин аатын ол эмээхсин сопко эппит уонна билигин этэннэ олорор курдуктар. Тьфу-Тьфу-Тьфу!».

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 16:24

ӨЛҮӨХ

Дьонум миигин, ыраах сытар
атын нэһилиэккэ, сайылата ыыттылар. Аймахтарын биллин – диэтилэр. Онно аҕам инилэрэ уонна балтылара олороллор. Мин эдьиийим аахха олорор буоллум. Эдьиийим Бөдүөрэ биэс
оҕолоох огдообо дьахтар.
Тиийэн баран, бастакы кэмҥэ чуҥкуйдум. Дэриэбинэ кыра, дьарыга аҕыйах. Дьуккаахтыы, эмиэ аймахпыт ыал, Ааналаах диэн олороллор эбит. Улахан уоллара Олег соторутааҕыта ыал буолбут. Куруук биһиэхэ киирэллэр.
Ийэлэрэ Аана эдьиийбин кытары ыга чугас дүөгэлиилэр эбит, кэпсэтэллэрэ элбэх.
Дьэ оннук икки дуу, үс дуу күн чуҥкуйбутум кэннэ, күнүскү чэй кэмигэр, аан иэччэҕэ туллуор дылы тэлэ баарда, ынырык часкыйбыт, сирена курдук хаһыыннан таһынааҕы кийиит кыыс, Олег кэргэнэ сүүрэн киирдэ. Мин хаһан да манныкка түбэспэтэх киһи, устуулбуттан суулла сыыстым. Дьиэбит түөрт хостоох, ортотугар оһохтоох. Оһох тула ааннардаах. Ларыыса киирдэ да оһох кэннигэр түстэ. Мин килиэппэр хара сыстым. Туох буолбутун ситэ өйдөөн быһаара иликпинэ, “Өлөрүөөм” – диэн хаһыы дьиэ иһин сатарытта. Олег кэлэн турар эбит. Хоско сирена тыаһаата, Олег онно ыстанан кэбистэ. Кыыс уолтан оһох тула куотта, биһиги киһибит оҕус курдук мөҥүрүү-мөҥүрүү кэнниттэн сүүрэкэлээтэ. Мин хараҕым тэстиэх курдук. Ыаллар оһоҕу хаста да эргийдилэр. Киниит быыс булан таһырдьа ыстанна, Олег өссө биирдэ эргийэн баран кэргэнин кэнниттэн сүүрэ турда. Бу тухарыы киһи дөйөр үөгүтэ.
Айдаан кыччаан ыраата турда. Эдьиийим – “Өлүөх ааҥҥытыын” – диэн, кэннилэриттэн этэн көрөн баран, сапсыйан кэбистэ. Итии чайын үрэ-үрэ - “Өлүөх – һы, аат булан ааттыыллар дии” – диэн ботугураата, онтон мин диэкки көрөн баран – “буолааччы, эн аһаан ис” - диэтэ. Мин килиэппин хаһан ыйыстыбыппын өйдөөбөккө хаалбыппым, чэйбин иһэн ыймахтаатым. Утаппыт киһи курдук, биир тыынынан бүтэрдим. Оҕолор бары ырбаҥнаһыы бөҕөлөр. Куруук буолар эбит. “Киэһээҥҥитэ үчүгэй” – диэтилэр.
Сотору соҕус Олег, саҥата-иҥэтэ суох кэлэн, ааны туруоран кэбистэ. Ким да, тугу да ыйыппат, сураспат. Хаһан да туох да буолбатаҕын курдук. Мин билиҥҥилии эттэххэ “шок” ылан баран сылдьабын. Өссө ордук, туох буолбутун, тоҕо буолбутун билиэхпин баҕарабын. Манна бары, кыралыын улаханныын кырдьаҕас аксакал курдуктар. Бэрдэ буоллаҕына “көрүөҕүҥ” – диилэр. Ол да буоллар, Аана киирэн эдьиийбэр кэпсээбититтэн иһиттэхпинэ, кийиит кыыс, күнүскү чэйи бэлэмнээн баран эригэр “Эн чайдаабаккын дуо?” – диэбит үһү. Ону Олег – чэдиигин дуо? диэхтээххин - диэн эккирэтэр эбит.
Эдьиийим аахха телевиисэрдээхтэр. Дэриэбинэҕэ аҕыйах ыалга баар. Киэһэ “Вечный зов” буоларыгар дьуккааах ыаллар көрө киирэллэр. Дьиэ иһэ кинотеатр курдук буолар. Бу киэһэ эмиэ дьон муһунна, Аана эмээхсин буоларын курдук киирэн инники, эдьиийим аттыгар олорунан кэбистэ. Киинэ олох буолаары турдаҕына Олегтаах Ларыыса хойутуу сыыһан, тыаһа суох киирэн кэллилэр. Кэнники миэстэҕэ, дьыбааҥҥа тигистилэр. Дьэ мин бырааттарбын кытта хоско киирдибит. Уолаттар бары былдьаһа-былдьаһа сабыы быыһынан көрөллөр. Суох, киинэни буолбатах, Олегтаах Ларисаны. Күлэн бычыгыраһаллар. Сибигинэйэн “Кэл, көр” – диэтилэр. Мин дьиктиргээн сабыы быыһынан көрбүтүм, Олег ойоҕун көтөхпүт, сыллаһыы-уураһыы бөҕө буолбуттар. Уол дьахтарын араас үчүгэйдик ааттыыр – чыычаах, көмүс, ый, күн, сулус, былыт онтон да атыннык. Оннооҕор - кутуйах, куоска - диир. Мин күлэн быара суох сытабын. “Вечнай зовка” эрэ наадыйбаппыт.
Сарсыныгар эмиэ хатыланна. Бастакы хаһыыттан соһуйдум гынан баран, холкутук сырыттым. Киэһэ эмиэ “киинэ” көрдүбүт. Үһүс төрдүс күнүгэр эргиллибэт да буоллум. Ордук “киинэтин” күүтэбит. Нэдиэлэҕэ үстэ-түөртэ буолар этэ. Онтон дьоммут сүтэн хаалбыттара. Мин ол сайыны эдьиийим аахха ситэ сылдьан баран, дойдубар төннүбүтүм.
Олегтаах тустарынан, өр кэмҥэ тугу да истибэккэ сылдьыбытым. “Оннук ыал уһаабатахтара буолуо, араҕыстылар ини” - дии саныырым. Бу аҕыйах сыллааҕыта бырааттарга, эдьиийдэргэ күүлэйдии бара сылдьан ыйыппыппар – бааллар, үчүгэйкээн эһээ-эбээ буолан олороллор – диэбиттэрэ.

                Аал бөрүө
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 18:38

Суобас суута

Ааптар: Наталья Кычкина

Анна бүгүн хаһааҥҥытааҕар да сэргэхтик уһугунна. Хайдах эрэ ис-иһиттэн ыллыах-туойуох, өрүтэ ыстаҥалыах курдук. Онтуттан бэйэтэ да иһигэр күлэ санаата. “Ама да мин буолларбын, билигин кэлэн ыстаҥалыы сырыттахпыный», - диэн бэйэтэ-бэйэтигэр ботугураата. Аттыгар доҕоро, тапталлаах кэргэнэ Толята утуйа сытарын yhyгyннарымаары, аргыый аҕай туран дьиэтээҕи халаатын бүрүнэн куухуна диэки ааста.
Анналаах Толя сүүрбэттэн тахса сыл анараа өттүгэр ыал буолбуттара. Сыл – хонук, Анна санаатыгар аҕыйах эрэ сыл элэҥнээн ааспыт курдук. Билигин кинилэр икки оҕолоох, куорат киинигэр түөрт хостоох дьиэлээх, массыыналаах, даачалаах быр-бааччы олохтоох ыал. Улахан уоллара Ганя үлэһит буолан Мииринэйгэ олорор. Кыыстара Диана орто оскуоланы бүтэрээри сылдьар.
Анна, ол саҕана көннөрү Аанчык-Баанчык, Толятын кытта үҥкүүгэ билсибитэ. Дьүөгэтэ Мотя хара күүһүнэн пааркаҕа илдьэ барбыта. Аанчык соччо баҕарбатар да, оҕолору кытта билсээри, дьону-сэргэни көрөөрү диэн барсыбыта. Мотята харса суох үҥкүүлээн, уолаттары кытта аҥаар кырыытыттан билсибитинэн барбыта. Аанчык дьиэлии охсоору дьүөгэтин кэтэһэн соҕотоҕун ыскамыайкаҕа олорбута. Ол олорон ис-иһиттэн сылаанньыйан, айаҕын муҥунан сыҥааҕырдыбыта. Арай ойоҕоһугар киһи саҥата: “Оо, туох ааттаах уута кэлбит киһи муҥнана олороҕун?” - диэтэ. Эҕэлээх саҥа диэки хайыспыта, аттыгар спортивнай таҥаһы тиирэ кэппит уhyн баҕайы уол күлэ турара. Кыыс соһуйан уонна кыбыстан туох да диэҕин билбэккэ

кытаран эрэ хаалбыта. Онуоха уол кыыhы кыбыһыннардым диэн: “Оонньоон эттим, бырастыы гын, хата, билсиһэн кэбиһиэх, Ньургун диэммин”, - диэн баран, кэтит ытыһын кыыс диэки ууммута.
Аанчык соһуйбута, кыбыстыбыта aaha охсон биэрбэккэ, саатар утуктуу сылдьар буолан уолга илиитин биэрэн: “Аанчыкпын”, - диэн ботугураабыта. Кинилэр бу күнтэн ыла билсэн барбыттара.
Ньургуммут дьиҥнээх аата Толя буолан тахсыбыта. Кини инженер үөрэҕин бүтэрээри сылдьарын, хоту улуустан төрүттээҕин, бииргэ төрөөбүт ахсыаларын, бэйэтэ кыракый хостооҕун туһунан кыыс аҕыйах хонук иһигэр билбитэ.
Толя киһини хайдах эрэ бэйэтигэр тардар дьикти күүстээҕэ. Кини тула кыргыттар, уолаттар куруук баар буолаллара. Уол спордунан, тустуунан дьарыктанара. Аанчык сүүрүүнэн дьарыктанар буолан, иккиэн бииргэ эрчиллэллэрэ, биэрэк устун кэккэлэһэ сүүрэллэрэ.
Толя үөрэҕин бүтэрэн баран, Аанчык диплом ыларын кэтэспитэ. Оо, ол күнү ама умнар үhүө… Аанчык дипломун “5” сыанаҕа көмүскээн атаҕа сири билбэт буола үөрбүтэ. Тута дьонугар төлөпүөннүү охсон, үөрүүтүн үллэстибитэ. Ийэтэ барахсан долгуйан ытаабатаҕа эрэ. “Аҕаҥ баара буоллар, кыыhым мин туйахпын хатаран экэнэмиис буолан эрдэҕэ диэн төһө эрэ үөрээхтиэ этэ”, - диэбитэ. Кууруһун оҕолоро бары бу киэһэ тутуспутунан рестораҥҥа сылдьарга быһаарыммыттара, онтон нөҥүө күнүгэр Өлүөнэ устун күүлэйдии барыахтаахтара. Дьүөгэтэ Мотя эмиэ биэһи ылан үөрүүтэ муҥура суоҕа. Кини тута аймахтарыгар кэпсии ыстаммыта. Аанчык түргэн үлүгэрдик уопсайын диэки элээрбитэ. Тиийэн суунан-тараанан, оҥостон баран, киэһэ рестораҥҥа тиийиллиэ дии санаабыта. Толята атын улууска күрэхтэһэ сылдьара, үс-түөрт хонугунан кэлиэхтээҕэ.
Вахтаҕа тиийбитэ, күлүүһүн тылын ылбыттара диэн буолла. Аанчык тыын быһаҕаһынан бэһис этээһи өрө дабайан тахсан аанын тэлэйэ баттаабыта – арай остуоллара хос ортотугар кэлбит, хаһан да харахтаабатах элбэх сибэккитэ, шампанскай, сакалаат, араас ас-үөл, фрукта өрөһөлүү тардыллыбыт. Өйдөөн
көрбүтэ, сибэкки быыһыгар Толята олорор эбит. Хайдах күлүүс тылын вахтаттан ылбытын, Аанчык дипломун биэскэ көмүскээбитин хантан барытын билбитин туоһулаћа барбакка, кыыс тута итии таптал уотугар угуттанан, туох баар биэс сыллаах сылайыытын-элэйиитин таһааран, экзамен ааҕан хас угуйбатах түүннэрин умнан, тапталлааҕын кэтит түөһүгэр умса түспүтэ. Толята: “Аны бу уопсайга биир да хоннорбоппун, сөптөөҕүн кэтэстим, бүгүн сүгүннэрэн илдьэ барабын»,- диэн мас-таас курдук эппитэ.
Ол кэмтэн ылата элбэх бириэмэ аастаҕа. Урукку Аанчык-Баанчык аны Анна Михайловна тэрилтэ биир тутаах үлэһитэ, кылаабынай экономист, оттон Толя – Анатолий Гаврильевич, чааһынай тэрилтэ дириэктэрэ. Ити курдук уруккуну-хойуккуну саныы-саныы, Анна кофе оргутта, сымыыт ыһаарылыы охсон, дьонун биир-биир уhугуннарда. Кыыс турумаары атаахтаан мунньаҥнаан баран, нэһиилэ атаҕын соһон ванна диэки ааста. Толя биир сири тобулу көрөн баран сытар эбит. Анна кэнникинэн Толятын саҥа билэн эрэр курдук санаталыыр буолла. Тугу эмит кэпсэтээри гыннаҕына, киһитэ соһуйан ходьох гынар, арыт төрүт да истибэт, кэлиҥҥи кэмҥэ олох да сылайдаҕа аатыран, түҥнэри хайыһаат, утуйан хаалар идэлэннэ. «Аны туга эмит ыалдьара дуу, биирдэ эмит аһаҕастык кэпсэппит киһи, эчи иллэҥэ да суохпут бэрт, сылайара да буолуо”, - диэн Анна куруук кэпсэтиини уһатан иһэр.
Дьоно сып-сап аһаан тахсан бардылар. Анна бу нэдиэлэҕэ отгул ылан олорор, дэлби сылайан, сынньаныан, Толятынаан рестораҥҥа, театрга сылдьыан баҕарар да, отчуота эмиэ бу ыга анньан кэллэ.
Дианам кэллэҕинэ биирдэ эбиэттиэхпит дии санаан, Анна телевизор холбоон көрө олордо. Арай ааны харса суох звоноктаан лынкынаттылар. Дьиэлээхтэртэн атыннык звоногу баттыыр дьон кэлбиттэрин тута сэрэйэн, халаатын быатын көннөрө-көннөрө, ааҥҥа барда. Урут ким кэлбитин ыйытар бэйэтэ олох да аанын нэлэччи аһан кэбистэ. Иннигэр кэргэнин тэрилтэтигэр үлэлиир сэкирэтээр кыыс Юленька турар эбит. Толям туох эрэ наадаҕа ыыттаҕа диэн саҥардыы айаҕын атан истэҕинэ, анараата, ыҥырыы күүппэккэ, боруогу атыллаата да:

  • Анна Михайловна, биһиги Толялыын, ээ, Анатолий Гаврильевичтыын таптаһабыт, эн кинини баһаалыста тутума, аныгы дьон быhыытынан эйэлээхтик араҕыс, кыыс үөрэххэ киирэригэр көмөлөһүөхпүт, мин Толята, кини миигинэ суох сатаан олорбоппут, - диэн оҕо хоһоону нойосуус этэрин курдук биир тыынынан субурутан кэбистэ.
    Анна көрө олорбут сериалым салгыыта дуу диэх курдук санаталаан ылла. Бу эдэркээн кыыс тугу-тугу лахсыйа турарын өйүгэр илдьиритэ сатыы турда.
  • Толя эйигин таптыыбын диэбитэ дуо, кини эйигин миэхэ ыытта дуо? - диэн нэһиилэ ыган таһааран ыйытта.
  • Кини миигин таптыыр, эн эйэнэн арахсар буоллаххына, дьиэни-уоту, ууруу харчыны барытын хаалларар, - диэт, сорукпун толордум диэбиттии, кирилиэс устун аллараа сүүрэ турда.
    Анна аанын да сабарын умнан саала ортотутар мээнэ иччитэ суоҕунан көрөн турда. Төһө өр маннык турбута буолла, арай Дианата: “Хайа, бу маама аанын да хатаабат буолбут дуу, киһини үөрэтэригэр бэрт буолуо”, - диэн кыыһын саҥатыттан эмискэ сүүскэ бэрдэрбит курдук ходьох гына түстэ. Аат эрэ харата эбиэттээбитэ буолаат, кэргэнин кытары бииргэ үлэлиир бухгалтерыгар, саамай чугастык саныыр дьүөгэтигэр Надежда Ивановнаҕа эрийдэ. Ону-маны кэпсэтэн баран тута туруору Толя уонна Юленька сыһыаннарын барытын билэрин туһунан, онон тугу да кистээбэккэ кэпсииригэр модьуйда. Надежда Толялаах Юля сыһыаннара дириҥээбитэ ырааппытын, үлэ чааһын кэнниттэн куруук бииргэ баралларын туһунан «информация» биэрдэ.
    Сүүрбэ биэс сыллаах дьоллоох (кини эрэ санаатыгар эбитэ дуу) олохторун ити сэкирэтээр кыыс аҕыйах мүнүүтэ кэлэн барыыта сотон кэбистэҕэ. Анна сүрдээҕин кыһыйда-абарда, ама ити кыыс инниттэн олохпут огдолуйуо дуо, дьахтар муударай буолуохтаах, барытын сыта-тура толкуйдуохха, бэринимиэххэ эрэ наада диэн ону-маны төбөтүгэр сыымайдыы сытта.
    Эмискэ ойон туран Толятын суотабайыгар эрийдэ. “Киэһэ алта чааска дьиэбиттэн кэлэн ылаар, отгулбун сууйа таарыйа рестораҥҥа барабыт”, - диэт, туруупканы ууран кэбистэ. Түргэн үлүгэрдик билэр парикмахерыгар суруйтарда да, ааны сабан таһырдьа ыстанна. Таарыйа стилискэ сылдьан сирэйин-хараҕын тупсарынна, саҥа макияж оҥоттордо.
    Киэһэ лоп курдук алта чааска Анна ох курдук оҥостон, киһи билбэт буола тупсан, Толята төлөпүөннүүрүн кэтэһэн олордо. Рестораҥҥа тиийэн ас арааһын сакаастаата, Толята Аннатын саҥа көрбүт курдук соһуйан, хараҕын араарбакка да олордо. Ону-маны кэпсэтэн, уруккуну-хойуккуну санаан, туох да буолбатаҕын курдук үөрэ-көтө олордулар. Онтон Толя тэрилтэтин дьонун «ырыттылар». Анна саҥардыы кэлбит сэкирэтээр Юленька туһунан биир сураҕы билэрин быктарда. Соторутааҕыта Надежда Ивановналыын кэпсэппитим, онуоха кини Юленька суоппар Дима уоллуун эрийсэрин, күүлэйдиирин туһунан кэпсээбитин, Дима кэргэниттэн арахсаары сылдьар үһү диэн «сымыйа» сураҕы кырдьык-хордьук кэпсээтэ. Бу Анна иэстэһэр бастакы муударай былаана этэ. Толя ыйытар кэмнээх буоллаҕына, бу сураҕы Надежда бигэргэтиэхтээх. Толя эмискэ кумааҕы курдук кубарыйан хаалла, уруулга олорор буолан испэккэ олорбут шампанскайын харса суох хантатан кэбистэ уонна туран туалет диэки барда. Чочума буолаат, төннөн кэлэн Аннаны дьиэлиэх, төбөм дэлби ыарыйда диэтэ. Анна кэһэппит киһи быһыытынан астынан, Толятын иннигэр түһэн, дьиэлэрин диэки айаннаатылар. Толя түҥнэри хайыһаат утуйар бэйэтэ, бу түүн өтөрүнэн таптаспатахтарын таптаһан, ыбылы куустуһан баран, сарсыарданан эрэ утуйдулар.
    Сарсыныгар Анна эбиэккэ диэри утуйан баран, маҕаһыыннары кэрийэ барда. Киэһэ минньигэстик астаан дьонун үөрдээри, санаата көнньүөрэн сылдьар. Араас аһы-үөлү ылан икки толору суумкалаах дьиэтин аанын нэһиилэ аһан киирбитэ, төлөпүөнэ бирээмэ миэстэтиттэн сыҕарыйыах айылаах тырылыы турар эбит. Хайдах эрэ бу тыас тугу эрэ куһаҕаны түүйэрин иһигэр дьиибэргии санаата. Баҕар тохтуо диэбит курдук илиитин уунан иһэн төттөрү ылла. Суох, тохтуох быһыыта суох, хата өссө тэбиэһирбиккэ дылы. Анна сэрэнэн туруупканы ылан кулгааҕар даҕайда. Билбэт куолаһа: “Васильевтар дуо, Анна Михайловна, морга кэлиэҥ этэ, массыына саахалыгар түбэспит киһи эн кэргэниҥ буолуон сөп”, — диэн ыксаабыттыы субурутта. Анна туруупкатын туппутунан кириэһилэтигэр налыс гынна…
    Кэлин истибитэ, маннык буолбут. Толя ол күнү быһа туох эрэ ыарахан сүгэһэрдээх курдук сылдьыбыт. Барыга бары ээл-дээл, оннооҕор биир докумуоҥҥа илии баттыырын да умнан, дьонун төттөрү-таары сүүрдүбүт. Үлэ чааһын кэнниттэн таһырдьа тахсан дэлби Юлятын кытары этиспиттэр, айдаарсыбыттар, ыһыы-хаһыы бөҕө буолбут. Иккиэн сирэйдэрэ-харахтара дэлби туран хаалбытын үлэһиттэр түннүгүнэн көрбүттэр. Онтон айдаарса-айдаарса массыынаҕа киирэн олорбуттар, Юля ыытааччы буолбут. Ол баран иһэн Камаз массыыналыын харсыһан, иккиэн тэҥҥэ тыыннара быстыбыт…
    Анна киһитин көмөн баран, хаста да Надеждатыгар төлөпүөннээри гынан баран, туттуммута. «Сүтүктээх сүүс айыылаах» дииллэринии, ким буруйдааҕын көрдүү сатыыра. Юленька, Толя, Надежда, Анна бэйэтэ? Арай, арай, арай диэн санаа кэрчиктэрэ бииртэн-биир көтөн түһэллэрэ. Толята 40 хонугун кэнниттэн күүс ылан Надеждаҕа зрийбитэ. “Толя ол күн сарсыарда кэлээт даҕаны миигиттэн Юленька Дималыын кырдьык эрийсэллэрин, холбоһуох буолалларын туһунан ыйыппытыгар, мин, эйигин кытары сүбэлэспитим курдук, барытын кырдык диэбитим. Өссө эбиитин тэрилтэ дьоно бары билэллэр. Эйигин кытары харчы эрэ иһин сылдьар диэн эбэн биэрбитим. Кинилэр үлэ чааһын
    кэнниттэн таһырдьа тахсан дэлби этиспиттэрэ, туту да билбэт, сэрэйбэт Дима кыратык уолуктанан ылбыта, Юля дэлби ытаабыт этэ, онтон массыынаҕа олоро түһээт, сүр түргэнник элээрэн хаалбыттара. Бүттэҕэ ол”, - диэн Надежда кэпсээбитэ уонна аны хаһан да миэхэ эрийимэ, бэйэм да суобаһым ыалдьан, Юля дьонун харахтарын утары көрбөппүн диэбитэ. Юля дьоно соҕотох кыыстарыттан матан дэлби ыарытыйалларын, балыыһаттан арахсыбат буолбуттарын кэпсээбитэ.
    Анна сирдээн тимириэҕин сирэ кытаанах, халлааннаан көтүөҕүн халлаана ыраах, барар сирэ баҕана үүтэ буолан нэһиилэ сылдьыбыта. Били, оҥостор, көрүнэр бэйэтэ, кырдьан, кыччаан хаалбыта. Мииринэйтэн уола көһөн кэлбитэ, Дианата үөрэрэ-көтөрө аҕыйаабыта. Санаатын аралдьытан, кыралаан иһэр буолбута.
    “Бириэмэ – эмчит” дииллэринии, билигин Анналаах сүрэхтэрин бааһа оһо быһыытыйан, этэҥҥэ олороллор. Уол аҕата өлбүтэ биир сыла ааспытын кэннэ сөбүлүүр кыыһын кэргэн ылан ыал буолбута, эһэтин аатынан Толя диэн кып-кыра киһилээхтэр. Анна оҕолорун аттыттан араарбакка, бэйэтин кытта олордор. Төһө да бириэмэ аастар, киэһэ аайы хоhyгap киирэн, Толятын хаартыскатын аттыгар олорон тапталлааҕын бырастыы гынарыгар көрдөһөр, дьахтар “муударай өйө” ардыгар атын өттүнэн эргитэн таһаарарын санаан, уйа-хайа суох ытыыр.
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 20:09

Олох оҥоһуута

(кэпсээн)

Сайыҥҥы сарсыарда эрдэ туран, Бүлүү өрүс кытылын устун, саҥа күнү айхаллыы, хааман истим. Уу-чуумпу, арай ыраах хойутаабыт дуу, ыксаабыт дуу массыына тыаһа ньирилиир. Син чочумча хаама түһээт, өйдөөн иһиттэхпинэ киһи ытыыр. Өр туран иһиллээн көрдүм, ытыыр саҥа баарын курдук баар. Хайалара буоллаҕай диэн, саҥа устун баран истим. Сааскы муус уута улахан тиити аҕалан бырахпыт сиригэр, киһи көхсө көстөр… ытыырын тохтоппот…арааһа соҕотох быһыылаах… Чугаһаан тиийэн хайдах буоллуҥ, амаҕын дуо, туоххун эчэттиҥ диэн туоһулааччы буоллум. Ытанньаҕым сааһыра барбыт, уу диэни билбэтэҕэ ырааппыт таҥастаах-саптаах, уу кэһэр кылгас саппыкылаах, аттыгар саҥа аһыллыбыт арыгы иһиттээх киһи буолан биэрдэ. Саҥабыттан соһуйан, хараҕын уутун туора соттон баран, түргэн үлүгэрдик хомунар аакка барда.

  • Киһи сүрэҕин хайытаҥҥын, тугу үөмэ сылдьаҕын бу?
  • Дорообо, онтон…онтон киһи хайдах эрэ буолла диэммин истэн кэллим ээ.
  • Хайдах буолуохпунуй? Көр! Көр! Бу олоробун ди! Кэһиэҕирбит куолаһынан эмиэ да уордайбыт, эмиэ да соһуйбут быластаах саҥа аллайда. Сирэйбин-харахпын ол быыһыгар уоран көрөр. Ыксыыра тохтоото.
  • Туох буолбут киһи хара сарсыардаттан өрүһү бата сырыттаххыный?
  • Ээ манна…таах…эрдэ уһуктан хааламмын дьаарбайа сылдьабын. Мантан чугас олоробун.
  • Билиҥҥи ыччат киһини кырбыах да курдуккут? Оо, биһиги эдэрбитигэр этэ, дьиҥнээх эдэр саас диэн!
    Киһим олорбут сирин уларытан, кумахха олордо уонна иһитин уулаан барда. Арааһа, куттала суох диэн санаата быһыылаах. Киммин-туохпун туоһуласта, ааппын-суолбун ыйыталаста. Били барахсан төбөтүгэр тахсан, тыла былдьырыйан барда. Тугу гына туруохпунуй? Бары үтүөнү баҕардым уонна дьиэм диэки төттөрү хайыспыппар, киһим эмиэ ытаан барда…эр киһи ытыырын бу иннинэ олохпор көрө, истэ илик буоламмын, хайдах эрэ кыбыста, эмиэ да аһына тутуннум. Киһим ытыырын быыһыгар “аһылыгын” амсайар.
  • Тоҕо ытыырбын билэҕин дуо? Эн? Хантан билиэххиний? Дууһам ытыыр, мин буолбатах, дууһам!
  • Туохтан ытыыргын хантан билиэхпиний? Дьиэҕэр бар, сылайбыккын быһыылаах!?
  • Ноо, кэл! Олор эрэ, саатар эн иһит… Соһуччута да бэрт буолан, киһим аттыгар олордум. Кэпсээнин саҕалаан барда… Эдэр сырыттахха, кыыс эрэ барыта хараҕа хатанар, сырдык бааһынай хааннаах, саҥаран-иҥэрэн, киирэн-тахсан, дьээбэлээх эр бэрдэ этим. Дьоммун билбэппин, соҕотох эдьиийбэр иитиллибитим. Сураҕа ийэм арыгылаан үлүйэн өлбүт үһү, аҕам ким буоларын ким да билбэт. Ол да буоллар, эдьиийим барахсан, атын толору ыал оҕолоруттан туох да итэҕэһэ суох иитэн-такайан, үөрэхтээх киһи оҥорон, анараа дойдуга аттаммыта бүгүн биир сыла буолла… Түҥ-таҥ бардым быһыылаах да буоллар, чэ арай. Чэ арай, сөбүлүүр кыыспын ойох ылан, сыбаайба дэлэйин тэрийэн, ыллаан-туойан олоҕум биир саамай кэрэ кэмнэрэ этилэр. Эдьиийим барахсан толору дьоллоох харахтарын күн бүгүнүгэр диэри умнубаппын… Киһи сиэринэн туспа дьиэ куортамнаһан, ол бу кыра-хара үлэлэргэ үлэлээн, ыал ыал курдук олохпут саҕаламмыта. Биир сылынан күүтүүлээх уолбут күн сирин көрөн, төрөппүттэр үрдүк ааттарын ылан, үөрүүбүт муҥура суох этэ. Уолбут куруук ахсын ытыыр, сэниэтэ суох…идэлээх быраастарга көрдөрөбүт, ама буолуо дииллэр…эмп той аныыллар… Киэһэ үлэбиттэн кэлбиппэр, кэргэним буоларын курдук, толору астаах көрүстэ. Күннээҕи дьыаланы кэпсэтиһэн, утуйарга бардыбыт. Арай ааммытын тоҥсуйаллар. Ойон тураат, кимий? диэн хаһыырдым. Эдьиийим барахсан, тураахтыыр эбит. Куттаммыт, уолуйбут…биллэн турар, дьиэбэр киллэрээт, хайдах, туох буолбутун сурастым, мэктиэтигэр бэйэм ыксаатым. Саас сааһынан кыайан кэпсээбэтэ, оннук төрдүөн оҕо ытыырын быыһыгар утуйдубут… Сарсыарда турбутум эдьиий суох. Эрдэ барбыт. Үлэбэр ыстанным, хойутааһын буолбут.
    Киһим сиэбиттэн табаҕын хостоон, аҥарыгар дылы тохтон саккыраан хаалбыт сототун үөхсэ-үөхсэ уматынна. Кыратык аһылыгын ыймахтыыр, тыын ылар. Кэпсээнин саҕалаан барда…
    Ол күн санаам буолбат, тоҕо түүн оройугар эдьиийим кэлэ сырытта диэн өйбүттэн тахсыбат. Үлэбитигэр барыны бары билбит, араас сураҕы истибит, эдэр дьахтар диэтэххэ тош курдук мэтэҥэлиир, кумаахы хотуна кэлэн, дьиэҕэр барар үһүгүн, кэргэниҥ эрийдэ, оҕоҕут эмиэ ыалдьыбыт үһү диэт, хобулуктарын онно эрэ көстөн хаалла. Хайыахпыный, хап сабар дьиэбэр ыстанным. Кэргэним да суох, оҕом да суох. Балыыһаҕа тиийбитим, кэргэним барахсан биир сири тобулу көрөн баран олорор. Саҥарбат. Оҕом… оҕобут…уолбут хайдаҕый? Саҥарбат…ыксаан сүрэҕим бип-битигирэс буолла. Сиэстэрэ кыргыттар кирик-курук тутталлар…куота-көтө сырыттылар…быраас хоһугар батырата үктээн тиийбиппин бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Тулуйуҥ, оҕоҕут суох…суох буолла…сотору кэминэн биэриэхпит диэтэ…бу ынырык этиилэр кэннилэриттэн, туох баар барыта ой дуораана охсуллан ааһарын курдук ырыых ыраах буолла…бэл диэтэр саҥарыахпын саҥам тахсыбат…кэннибэр айманыы, сүүрэкэлээһин буолла…аны кэргэним…кэргэним, тапталым сүрэҕэ тохтоон, ол күн көмүс чыычаахтарбыттан илии соттон кэбиспитим. Киһи киһиэхэ кэпсээбэт туруга, харах уута, суланыы, олоҕум саамай хараҥа далаһата ыыра кэҥээн, тэнийэн барбыт кэмнэрэ саҕаламмыттара. Бу да кэмҥэ эдьиийим күүс - көмө, сүбэ - ама буолан иккиэннэрин этэҥҥэтэ дьаһайбыппыт…
    Аҕыйах хонук миэхэ да кэлэн олорбоккун ээ диэн көрдөһөөхтөөбүтэ даҕаны, ону иҥин буһарар өй оччолорго киирбэт да этэ. Ама маннык кытаанах накаас биэрдэҕэ дуу дьылҕам, тугум иһин…тоҕо диэн толкуйдар күн бүгүнүгэр диэри сордоон кэллилэр. Арыгы барахсан батыһа сылдьар киһитэ буоллум. Үлэбиттэн эһэннэр, дьэ амырыын олоҕум саҕаламмыта. Маҕаһыын инниттэн арахсыбакка туруу, араас билбэт салгын дьону кытта алтыһыы…
    Эдьиийим кыһаллан сордоноро, дьиэтигэр аҕалан олордон, араастаан эмтэтэ сатаан, үлэ булан биэрэн…суох, төттөрү түһүү үөлэһэ син биир тимирдибитин курдук тимирдэн, ыыппат оборчотугар умса баттаан испитэ.
    Ити барбыттарын кэннэ 10 тан тахса сыл ааста. Эдьиийим улаханнык ыалдьан, эбиитин мин эрэйим сүгүллэн уһаабатаҕа. Бу түүн хаартыскатын көрө олорон, ол кэннигэр сурук хаалларбытын, биир сыл буолан баран булан аахтым. Хаһан эрэ түүн үөһүгэр кэлэн хоммутун туһунан суруйбут…ол түүн аҕаҥ кэлэ сылдьыбыта, бу сыллар тухары кистэл гына сылдьыбыт санаабын сурук нөҥүө тиэрдэрбин көҥүллээ эрэ диэхтээбит. Дьонуҥ тыыннаахтар, куорат киинигэр бэрткэ дьаһанан олороллор (аадырыстарын, төлөппүөн нүөмэрдэрин кытта ыйбыт). Таҥара барахсан оҕо кутун биэрбэт гына айан, балтыбыттан уонна күтүөппүттэн көрдөһөн-ааттаһан, өссө да оҕолонуоххут эдэр ыаллар диэммин эйигин бэйэбэр ылбытым. Ол да кэннэ дьонуҥ оҕоломмотохторо, икки игирэ кыргыттары оҕо дьиэтиттэн ииттэ ыланнар, билигин кимнээҕэр дьоллоох дьон олороллор. Бастакы сылларыгар ыйыталаһаллара эйигин. Оҕоҕут иринньэх оҕо төрөөн уһаабакка өлөөхтөөбүтэ диэн албыннаан, дьоммун улам-улам бэйэбиттэн уонна эйигиттэн тэйиппитим. Оҕом эрэ буолларгын, бу суругу хаһан эмит булан аахтаххына, булгуччу дьоҥҥун кытта билсээр диэбит.
    Мин хайдах эрэ киинэҕэ көстөр олоҕу ойуулаабытын эмиэ даҕаны итэҕэйбэт, эмиэ даҕаны дьиҥнээхтик ытырыктатан, ытанньаҕым кэпсээнин истэн дөйөн турдум. Киһим ону сэрэйбиттии сиэбиттэн суругу хостоон көрдөрдө.
  • Хайа диэкки олороҕун билигин?
  • Эдьиийим дьиэтигэр баарбын даҕаны, үүрүллэн тахсан хаһан утуйалларын манаан олоробун. Аны иһиппитин уорбуккун диэн эмиэ кырбанан эрдэҕим…
  • Онтон итиччэлээх тыыннаах дьоҥҥун кытта билсиэххин? Чэ кэл бардыбыт!
    Киһибин тоҥолоҕуттан тутан туруоран, дьиэбэр илдьэ бардым. Куйаас күн буолан сыппыт-сымарбыт өссө хойдор курдук. Дьиэбэр киллэрэн сууннаран, аһатан-сиэтэн баран муостаҕа тэллэҕи тэлгээн утуттум. Кэпсээбит сэһэнэ өйбүттэн тахсыбат…суругу илиибэр тутан олорон төлөппүөн үрдүгэр түстүм…

Барыыс Баһылайап, Бүлүү

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 22:35

Куоратчыт кэһэйиитэ

Тохсунньу. Дьон куораттан Саҥа дьылы көрсө тахсар кэмэ. Куоратчыт эмиэ ол сиэринэн кэлэн дойдутугар сынньана сылдьар. Уруккута эбитэ буоллар, иккилии көһү холкутук, айаным диэбэккэ эргийэн кэлэр бэйэтэ билигин үлэтэ үксүн олоруу буолан, ырҕайа уойан сылдьар. Бу да сырыттар, уруккутун курдук кыанар баҕайы курдук сананаахтыыр. «Дойдум сыта-сымара үчүгэйиин!» диэн, тыылла-тыылла дууһалыын сынньанар.

Биир атаһа тыаҕа тахсан киириэх диэбитин быһа гыммакка, эмиэ уруккутун курдук сылдьан кэлиэм диэн бугуһуйа сылдьар буолан, үөрүүнү кытта сөбүлэһэн “салгын сии” ааттаан тахсыһар.
«Быйыл баҕас хаар, дьэ, түһэ сатаабыт диэн көрө иһэр. Бу, дьиҥинэн, от тиэйэр тыраахтар аарааҥҥа диэри барарыгар түбэһэн, айаннаан иһэллэр. Тимир от тиэйэр остокобуос торуоһугар хайыһардарын хам баайан көрө иһэллэр. Дэриэбинэттэн улам тахсан истэхтэрин аайы хаар халыҥыырга дылы буолан барар.
Ходуһаҕа тахсыбыттара, доҕоор, аан ытылҕан буолан, хаар ытыллан ахан олорор эбит. Тимир көлө төһө да ото суоҕун иһин, орулаабытынан халыҥ хаарга айаннаан сордонор. Куоратчыт, дьэ, кытаанах айаҥҥа түбэспитин манна эрэ кэлэн сэрэйэр. Убайа олорсон иһэн, айан ыарахан соҕус буолуохтааҕын таайтаран, көхсүн этитэн, барбах ыгдаҥнаан ылар. Атаһа эмиэ ыарахан соҕус буолуохтааҕын сэрэйдэҕэ буолуо, саҥата суох иннин хоту көрөн олорор.
Тимир көлө өр гыммат “хорсун” хайыһардьыттары самахтарын туорайыгар диэри хаарга умса өҕүйтэлээн кэбиһэр. Хайыһар кэтиитэ, тыал да тыал, ала буурҕа…
Куорат дьиэтэ итиитигэр, били, урукку сылгытыйбыта ааһан, халыҥ ыстаан, халыҥ сон, тай-май буолан сылдьар. Санаатыгар, тоҥуо эрэ суохтаах…
От тиэнээччи тыраахтартан тэйдэхтэрин аайы барыахтаах сирдэрэ өссө ыраатан иһэргэ дылы буолан истэ. Баччатааҕы хаар сымнаҕаһа бэрт буолан, хайыһар төбөтө оттоох хаарга умустар эрэ өрө астарбакка сордоон барар. Хата, дьолун дьоллоохтор сотору бэҕэһээҥҥи бураан суолун булан абыраннылар. Ол суолу батан, буурҕаҕа сүтэн-оһон хаалар бураан суолуттан түһэн хаалбакка, баран иһэллэр. Улам-улам сылайан, чаас аҥаарын эрэ анараа өттүгэр хааламмыт аһа-үөлэ соччо сэниэ эппэтиттэн салла санаата…
Охто-охто айаннаан, тыаны нэһиилэ буллулар. «Баҕар, биир эмэ көтөр баара буолаарай?» диэн, тыаларын ахтан кэлбит уолаттартан куоратчыт муҥнаах ордук хотторбут, сылайбыт-элэйбит. Санаатыгар, урукку курдук эрчимнээх, сэниэлээх бэйэтэ билигин тоҕо маннык сэниэтэ эстибитин билбэккэ иһэр…
Борук-сорук буолуута тыа быыһынан тайаҕар арыычча дугунан, сыккырыыр тыына эрэ ордон, аат эрэ харата сукуллан иһэр. Сэниэ салаабыт да сирэ суох… Хас оҕуттаҕын аайы таҥаһа хаары эбинэн, тиритэн илийэн, ыараан иһэр.
Бу курдук им балайга суоллаах сири булан, иккиэн умса түһэн сытан тыын ылаллар… Бу сытан куоратчыт дойдутугар сылдьыбыта буоллар, маннык төннүө суоҕун, хараҕа мөлтөөн, оннооҕор хайыһар суолун көрбөт буолан, бу хаары уобалаан, сүрэҕэ эппэҥнээн, арыычча ордон сытарын дьэ кэлэн билиннэ…

Буркун

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 22:54

ОЛОХ АРААСТААХ

Түүнүн сөрүүдүйэн, күнүс тыалыран Дьокуускайга күһүн кэлэн иһэрэ биллэр буолла. Куораты иилии сытар мырааннар мастарын көмнөҕө түһэн, хатыҥнарын көмүс сэбирдэхтэрэ таммалаан, сыгынньахтаммыт курдук боруоран көстөллөр. Айылҕа уу чуумпу, тугу эрэ кэтэһэрдии налыйбыт курдук.
Арай куорат кытыытыгар сытар пуорт биир кэм тыаһынан-ууһунан ньирилээн-ньиргийэн олорор. Аэровокзалга дьон кыймаҥнас, күнү быһа сөмөлүөттэр хоту-соҕуруу, илин-арҕаа көтөн күпсүһэллэр да, дьон көҕүрээбитэ көстүбэт. Аймалҕан, аалыҥнаһыы уостубат. Вокзал иккис этээһигэр баар ресторантан эҥин эгэлгэ ас сыта кэлэрэ сүрэҕи сөлүөрдэр, дирбиэннээх музыката кулгааҕы дөйүтэр. Уонча остуолга тобус-толору дьон күнү быһа иһэр-аһыыр, эдэркээн официанткалар ыарахан бодунуостарга ас таһан сүүрэллэр, сылайбыттара көстүбэт, биир кэм мичээрдии сылдьаллар. Аһара иһэн
иһэн ампаалыктаһар дьону икки төрөл киһи хоннохторун анныларыттан өрө баһан, эрийэ тутан, таһырдьа тэлэкэчитэллэр, сорохтору полицияҕа туттараллар.
Чокурдаахха көтүөхтээх Толялаах Федя сөмөлүөттэрэ Тиксиигэ хаайтаран, барыахтаах сырыылара көһөрүллэн, буфекка аһаары киирбиттэрэ, арай бэркэ билэр атастара игирэ Колесовтар уочаракка тураллар эбит. Көрсүһүү үөрүүтүн бэлиэтии рестораҥҥа ааспыттара. Официант сакааһы аҕалыар диэри арааһы ыатарбыттара. Игирэлэр сибээс техникумун бүтэрэн, дойдуларыгар анаммыттар, дьоллоругар, икки миэстэ оройуон киинигэр баар буолан, төрөппүттэрин олус диэн үөрдүбүттэр. Билсэр кыргыттара сөбүлэстэхтэринэ өссө ыал буолуохтаахтар үһү, быһата, биирдии үрүүмкэ ылан иһэргэ тоҕоос элбэҕэ биллэн, бастаан биир үрүүмкэ иһиллибитэ, онтон иккис, салгыы үһүс, ол кэннэ харчы бараныаҕа биллэн, ресторантан тахсарга күһэллибиттэрэ.
күһэллибиттэрэ. Оскуолатааҕы көҥүл сылларын санатыһан чэпчээбит, устудьуоннаабыт кэмнэрин ахтыһан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт дьон, игирэлэр, оптуобуһунан эдьиийдэригэр төннөллөрүгэр сыллаһан-куустуһан арахсыбыттара. Хойут билиэттээх Колесовтар «баҕар эрдэ көтүөхпүт» диэн киирбиттэрэ сатамматаҕа. Хайыай, дойдуларыгар кэтэһэр кыргыттардаах дьон ыксаамына, өйдөнөр дьыала.
Уолаттар Колесовтары атааран баран, салгын сии таарыйа табахтыы турдахтарына, кип-кирдээх, хаһан эрэ муодунай буола сылдьыбыт лаҕыыр уһун плащтаах, хас да сиринэн силлибит былыргыта фетровай сэлээппэлээх, санныгар тиийэр куударата киртийэн, тус-туспа сүүмэхтэринэн санныларыгар адаарыйа сылдьар баттахтаах, кытара-көҕөрө испит, эмээнэ суох сирэйдээх, дьон аттыгар кэллэҕинэ туох эрэ куһаҕан баҕайы аһыы сыттаах саас ортолоох киһи чугаһаан, уолаттартан табах көрдөөтө. Кыптыый диэни билбэтэх
билбэтэх уһун тыҥырахтара хап-хара халыҥ киринэн бүрүллүбүт. Сөҕүөх иһин, бу киһи имигэс тарбахтардааҕа, бэгэччэгэ эдэр дьахталлар киэннэринии синньигэһэ сөхтөрөн, Толя биир сотону ууммутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла. Табаҕын уматынан, хаста даҕаны дириҥ-дириҥник иҥсэлээхтик оборбохтоон, онтон муннунан буруолатан баран, киһи сүүһүн аннынан көрбөхтөөтө, кэһиэхтээх куолаһынан махтанна, илии тутуһа сатаабытын уолаттар тэйэн биэрдилэр. Онуоха киһилэрэ: «Өйдөнөр, алҕас», — диэтэ, тэйэ хаамта. Үстэ-түөртэ хардыылаат, охтон түстэ. Уолаттар соһуйан сүүрэн кэлбиттэрэ, киһилэрэ айаҕыттан күүгэн тахса-тахса таттаран барда, Федя санпоска сүүрэн тыллаабытыгар эдэркээн сиэстэрэ кыыс кэлэн, өрө мөхсө сытар киһи айаҕар туора тугу эрэ ытыртарда уонна нашатырнай испиирдээх маарыланы муннугар аста. Мүнүүтэ кэриҥэ мөхсөн баран, киһи олоро биэрдэ, мээнэнэн тугу да өйдөөбөттүү көрүтэлээтэ, турар кыаҕа суоҕун билэн, уолаттар соһон аҕалан
аҕалан ыскамыайкаҕа сытыардылар, бэйэлэрэ утары олордулар. Нуучча милииссийэтэ кэлэн, докумуон ирдээн күргүй-көбүө буолбутугар, уолаттар «уҥмута, өйдөнө илик» диэн көмүскэстилэр, саха киһитэ туохха-туохха түбэһэн ити курдук эрэйдээхтик сылдьарын эргитэ санаатылар. Арыгыга ылларан, киһи аатыттан ааспыта чуолкай быһыылаах, уҥара-таттарара эчи ынырыгын, суорума суолланыах сордоох быһыылаах. Дьагдьайан, уолаттар вокзалга киирдилэр, сөмөлүөттэрэ Тиксииттэн көтө илигин истэн, миэстэ булан олордулар. Түөрт саҕана сөмөлүөт Тиксииттэн көппүт аатыран, уолаттар үөрэ-көтө үссэнэ буфекка бардылар. Унньуктаах уһун уочарат син бүтэн, аска тиксэн аһаары турдахтарына, били таһырдьа хаалбыт киһилэрэ «дух-дах» курдук туттан чугаһаан: «Аһара аччыктаатым, туохта эмит бэссиэххит дуо», — диэн көрдөспүтүгэр, «туох ааттаах арахпат киһитэй» диэн кыйаханнылар эрээри буулка, кефир ууннулар. Киһилэрэ ыйыстар-ыстыыр икки ардыгар буулканы
уобалаата, чачайа-чачайа кефири ыймахтаата, онтон дьэ, арыый тыын ылан, харахтара уу-хаар баһан туран махтанна. «Сордоох арыый сэргэхсийдин, сууннун-тарааннын» диэн, уолаттар киһилэрин туалекка ыҥырдылар, киһилэрэ кэннинэн чинэрийдэ: «Кырбаамаҥ», — диэн соһутта. Кэмниэ кэнэҕэс, өйдөһөн, туалекка киирбиттэрэ, хата, мыыла баар эбит. Киһилэрэ плаһын устубута, ырбаахы диэн суох, эгэ маайка кэлиэ дуо, уолаттар сөхтүлэр. Киһи сирэйин суунан, баттаҕын мыылалаан сууна турдаҕына, Толя суумкатыттан аҕыйахта кэппит мастеркатын аҕалла, эбии соттор уунна. Киһилэрэ кэтэмэҕэйдии түһэн баран, сирэйин-баттаҕын соттон, саҥа таҥас кэтэн, олох атын киһи буола түстэ, мэктиэтигэр көммүккэ-уһаабыкка дылы буолла. Эргэ плаһын кэппэккэ кыра гына суулаата, «тоҥор киһи буолла» дии санаан, Федя пиджак иһинэн кэтэ сылдьар ичигэс сэлиэчигин устан киһиэхэ күүһүнэн кэриэтэ кэтэртэ. Уолаттар таһаҕастарын хаалларан «ууруммут»
ыскамыайкаларыгар үһүөн кэлбиттэригэр, кирдээх таҥастаах сырыттаҕына тэйэн биэрэр дьон эмискэ уларыйбыт киһини соһуйа көрдүлэр. Биир кырдьаҕас эмээхсин уолаттары хайҕаан элбэх үтүө тылы эттэ. Киһи билбэт гына уларыйбыт киһилэрэ утуйан хаалла. Ыкса киэһэ сөмөлүөккэ регистрация саҕаламмытыгар уолаттар аллара түһэллэригэр киһилэрэ өссө даҕаны утуйа хаалбыта эрээри сөмөлүөккэ тириэрдэр оптуобуска киирээри турдахтарына, уолаттарга кэлэн: «Киһилии сыһыан диэн тугун умна сырыттахпына, оҕолор, эһиги миигин Киһи буолар суолга үктэннэрдигит. Ис сүрэхтэн махталбын эһиэхэ этэбин уонна арыгы олох иһиэм суоҕа диэн андаҕайабын. Баһаалыста, миэхэ ааттаргытын суруйуҥ, көнөр күммэр көрсөр, баҕар, түгэн көстүөҕэ», — диэн көрдөспүтүгэр, уолаттар иккиэн кумааҕыга толору ааттарын, аадырыстарын суруйан биэрбиттэрэ.
Толялаах Федя дойдуларыгар кэлэн
үлэ-хамнас быыһыгар сылдьан, хаһан эрэ аһына санаан көмөлөспүт киһилэрин умнубуттара. Толя кэлин ийэтигэр Юлия Ивановнаҕа кэпсээбитигэр: «Ол киһи аатын ыйыппыккыт дуо?» — диэбитигэр, онно Толя биирдэ өйдөөбүтэ, кырдьык, киһилэрин аатын ыйыта даҕаны сатаабатахтар эбит. Төһө даҕаны сиргэммиттэрин иһин, «саха сордоно сылдьар» диэн аһаппыттара, таҥыннарбыттара. Юлия Ивановна Чокурдаахха сүүрбэ сыллааҕыта уол оҕолоох музыкальнай оскуолаҕа учууталынан ананан кэлэн олохсуйбута. Сүрдээх номоҕон сирэйдээх, көнө майгылаах эдэр учууталга элбэх уол күтүөттүү сатаабыта, огдообо, оскуола завуһа эдэрчи киһи, хас да сылы быһа сырса сатаабыта. Юлия Ивановна барыларыгар өһүргэммэт гына аккаастаабыта, уолун улаатыннарар-үөрэтэр кыһалҕалаах эрэ олорбута. Дэриэбинэ дьахталлара киирэ-тахса Толя аҕатын ыйыталастахтарына, онон-манан аралдьытан эппиэттээбэт этэ. Кыра сылдьан Толя аҕаҕа наадыйбат курдуга, арай оскуоланы
оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайга үөрэх туттарса бараары сылдьан, аҕата кимин сураспыта. «Аҕаҥ улахан талааннаах музыкант этэ, соҕуруу үөрэммитэ. Онно сылдьан нуучча кыыһын кэргэн ылбыта, ол иһин арахсыбыппыт, оттон эһэлээх эбэҥ, хомойуох иһин, эрдэ олохтон туораабыттара, онон куоракка эйиэхэ көмөлөһүөх айылаах киһи суох, хайдах эмит бэйэҥ олоххо суолгун тобула сатаа», — диэбитэ. Эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран, Толя үөрэххэ киирэр дьолломмута. Практикатын дойдутугар Чокурдаахха барарга көҥүллэтэн үөрбүтэ-көппүтэ. Олох хаамыыта түргэн. Дьокуускай пуордугар көрсүһүү үһүс сыла ааһыытыгар, Толялаах Федя кыһыҥҥы каникулга дойдуларыгар көтөн кэлбиттэрэ, хас да күн атастарын көрсүтэлээн, кылааһынан аһааһыҥҥа астына күүлэйдээн ахтылҕаннарын таһаарбыттара. Биир күн кулууп, маҕаһыын иннилэригэр улахан афишалар ыйаммыттара, Дьокуускай куорат филармониятын артыыстара кэнсиэр көрдөрөллөрүн туһунан суруллубут
суруллубут этэ. Саамай улахан көмүс буукубаларынан «Алексей Аянитов — виртуоз скрипач, дипломант Всероссийских конкурсов» диэн көстүүлээх гына бэчээттэммит. Киэһэ кулуупка көрөөччү бөҕө лыык курдук симиллибитэ, хоту, буолаары буолан кыһын, артыыстар кэлиилэрэ улахан үөрүү. Кэнсиэр бастакы аҥаарыгар араас кэрэ куоластаах ырыаһыттар, омуктуу-сахалыы ыллаан, ытыс тыаһа хабыллан олордо. Кэнсиэр иккис аҥаарын биллэрбиттэригэр, сабыллан турбут быыс аа-дьуо уһунна, сцена ортотугар санныгар диэри түспүт сырдык куудара баттахтаах, уһун дьылыгыр уҥуохтаах, мааны фрак кэппит киһи турара көһүннэ. Смычогунан скрипкатын таарыйан, кэрэттэн-кэрэ музыка кулуупка эйээрдэ. Скрипка тыаһа киһи тылынан сатаан эппэт эйгэҕэ дьону киллэрдэ, сорох дууһатын кылын таарыйтаран ытыахча буолла, сорох сүргэтэ көтөҕүлүннэ, абылаҥнаах музыка дьону сонурҕатта-дьиктиргэттэ. Скрипач харахтарын симэн, төбөтүн араастаан хоҥкуҥнатан,
хоҥкуҥнатан, ис-иһиттэн долгуйан, балачча уһуннук оонньоото. Ббүтэһик аккорд бүтээтин, тоҕо эбитэ буолла, кулуупка уу чуумпу бүрүүкээтэ. Чочумча буолаат, ытыс тыаһа, муора баалыныы бүтэ-бүтэ күүһүрэн кэлэн, кулууп иһин толордо, «браво, браво» диэн дьон махталларын биллэрдилэр. Арыый чуумпурбуттарын кэннэ скрипач наҕыл куолаһынан: «Эһиги дэриэбинэҕитигэр мин олохпор аанньал кэриэтэ буолбут икки эдэр уолаттар бааллар, кинилэр ааттара Толя Колесов, Федя Федоров. Кинилэргэ анаан суруйбут инструментальнай пьесабын бүгүн аан маҥнай эһиэхэ иһитиннэриэм», — диэн биллэрбитигэр, көрөөччүлэр уолаттартан ыйыталаһалларыгар бокуой биэрбэккэ, скрипка тыаһа намыыннык сыыйылынна. Киһи эрэйдээх-буруйдаах, мунар-тэнэр олоҕо, ол эрээри сырдыкка тардыһыы уонна Орто дойдуга олохтон кэрэ туох да суоҕа бу айымньыга иһилиннэ. Сэргэстэһэ олорор Федялаах Толя бу дьиктилээхэй скрипач били хаһан эрэ кинилэр Дьокуускай пуордугар
пуордугар аһынан таҥыннарбыт-аһаппыт киһилэрэ буоларын соһуйа биллилэр. Сирэй-харах бүтэн, киһи аатыттан ааһа сыспыт киһилэрэ виртуоз музыкант буолбутуттан үөрдүлэр, кэнсиэр бүппүтүгэр Аянитовы көрсө гримеркаҕа киирбиттэрэ, көрөөччү бөҕө артыыстарга махтана тоҕо анньан киирбит буолан, улахан кэпсэтии тахсыа суоҕун өйдөөн, Толя Федялаах Аянитовы дьиэтигэр ыҥырда. Ийэтэ тиийэ илик буолан, аһы-үөлү куукунаттан саалаҕа таста, Федя илии-атах буола сырытта. Таах олоруохтааҕар ыалдьыт истиэнэҕэ ыйанан турар хаартыскалары көрдө, онтон Юлия Ивановна эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскатын ыйда.
— Бу кимий?
— Ити мин ийэм кыыс эрдэҕинээҕи күлүгэ, куоракка түспүт үһү.
— Ийэҥ тугу үлэлиирий?
— Музыкальнай оскуола учуутала, эбиитин завучтуур.
Сотору таһырдьаттан Юлия Ивановна
Ивановна бэйэтэ хоочугураан киирдэ, таҥаһын устан, саалаҕа киирэн иһэн, Аянитовы көрөөт, төттөрү тахсыахча буолбутугар Толя:
— Маама, билсэн кэбис, бу Алексей Аянитов.
Артыыс, туохтан эрэ кыбыстыбыт курдук, илиитин уунан иһэн, төттөрү ылла:
— Юлия, дорообо, — диэтэ.
— Дорообо, — аат эрэ харата Юлия Ивановна эппиэттээтэ уонна тыына хаайтарбыт киһи курдук уолугун харбана-харбана куукунаҕа ааста.
Толя Федя кыспыт балыгын бүлүүһэлэргэ тарҕата уураары куукунаҕа киирбитэ, ийэтин санна ибигириир:
— Туох буоллуҥ, маама? — Толя ыйытта.
— Суох, тымныыта бэрт буолан дьагдьайдым.
— Аһылык барыта бэлэм, аһыа этибит. Ити Аянитов урут эйиэхэ кэпсээбит киһим эбит.

— Өйдөөтүм.
— Сотору тахсаар, — уол тоҥ балыктаах тэриэлкэтин саалаҕа илтэ.
Юлия Ивановна уолун кэнниттэн тахсан, аһыырдыы уолун таһыгар олордо. Уолаттар эти тэриэлкэлэргэ хоторбуттар, салаат арааһын бүлүүһэҕэ уурбуттар, түөрт үрдүк үрүүмкэлэргэ сампааныскай кутуталаабыттар. Бастакы көтөхпүт үрүүмкэлэрэ «көрсүһүү иһин» диэн буолла. Аянитов уонна Юлия Ивановна үрүүмкэ көтөхсөллөр эрээри испэттэр. Сотору тылы Аянитовка биэрдилэр. Киһилэрэ олоҕун тоҕо тэбээн кэпсээтэ. Кини кыра эрдэҕиттэн музыкаҕа дьоҕурдааҕын билэр буолан, дьоно баантан кредит ылан, Москватааҕы Петр Ильич Чайковскай аатынан консерваторияҕа үөрэххэ ыыппыттар. Уол эдэркээн устудьуон кэргэнин бэйэлэрэ илдьэ хаалбыттар. Хомойуох иһин, кинилэр куораттан саас даачаларыгар баран иһэн, массыына саахалыгар түбэһэн, эмискэ суох буолбуттар. Кыһалҕатыгар, 90-с сыллар
буолан, Аянитов Москваттан кыайан кэлбэккэ, кийиит кыыс соҕотоҕун сүүрэн-көтөн Аянитов дьонун көмтөрбүт, тулаайах кыыс, өйөһөн-өйдөһөн эйэлээхтик олорбут дьоно эмискэ суох буолан, сэттэ ыйдаах итэҕэс оҕоломмут, өр балыыһаҕа сыппыт. Оттон Аянитов, Москваҕа дьонун аһыннаҕа буолан, арыгыга убаммыт, үөрэҕиттэн үүрүллэн, сыл курдук саха устудьуоннарын кэрийэн хонор, аһыыр буолбут, эһиилигэр бииргэ үөрэнэр үтүө санаалаах кыыһа сүүрэн-көтөн, үөрэҕин салҕаабыт, устунан ол нуучча кыыһыгар убанан бииргэ олорбут, дойдутугар кэтэһэ хаалбыт кэргэнигэр наадыйбат буолбут. Кэргэнэ ханна эрэ көстөҕө… Алта сыл кэнниттэн үөрэҕин бүтэрэн, Дьокуускайга кэлбитэ, дьиэтигэр олох билбэт дьоно олороллор үһү. Бааҥҥа кредиттэрин кыайан төлөөбөтөх дьонтон дьиэлэрин былдьаан, атын дьоҥҥо атыылаабыттар. Аны филармонияҕа тиийэн үлэ көрдөөбүтүгэр, ким да кинини ытыһын үөһэ түһэрбэтэх, дьон үлэтэ суох буолбуттар. Кыната сарбыллыбыт
сарбыллыбыт киһи араас тэрилтэлэринэн музыкальнай салайааччы, учуутал үлэтин көрдөөбүт да булбатах. Куһаҕан кутуруктаах, дьиэтэ-үлэтэ суох, эбиитигэр хантан да харчы булар кыаҕа суох киһи эмиэ арыгы дириҥ далайыгар умсан барбыт. Дьиктитэ диэн, арыгыга кыра харчы, атас-доҕор түргэнник көстөрө үһү. Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүүр, иннинэн түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр дьоно суох киһи сотору дьон бары сиилиир-үөҕэр, сэниэлээх тэбэр-охсор киһитэ буолбут. Кыһынын хачыгаардаан сордонон баран, саас күн тыкта даҕаны көҥүл баран, арыгылаан айбардыыра үһү. Уолаттары көрсөр күнүгэр киоскаттан кыра ас уоран дэлби кырбаммыт эбит. Толялаах Федя киһилии сыһыаннарыттан бэйэтин дэбдэтинэ санаабыт, өйө дьэҥкэрэргэ-ырааһырарга дылы буолбут. Били уолаттарга андаҕайарыгар эрэннэрбити толорор ыараханын, эрэйдээҕин ситэ өйдөөбөккө тылын биэрбит. «Тыл барда, бас барда» диэн үлэ көрдөөбүт. Дьолугар, бииргэ оскуолаҕа хаһан эрэ
үөрэммит табаарыһа кырдьаҕастар дьиэлэригэр үлэҕэ ылбыт. Арыгытын эмискэ даҕаны буолбатар, «эр киһи биир тыллаах буолуохтаах» диэбит санаатын төлөрүппэккэ, бырахпыт. Баардаах баара батарбакка, бастаан кырдьаҕастар дьиэлэригэр, онтон куоракка буолар кэнсиэрдэргэ скрипкаҕа оонньуур буолбут. Иккис сылыгар куорат филармониятыгар үлэҕэ ыланнар, дууһалыын тардыһар эйгэтигэр аһыллан үлэлээн, кынат үүннэринэн, аны араас күрэххэ кыттар дьолго тиксибит. Урут кинини сиилиир, күлүү-элэк оҥостор уот айахтар сыыйа саҥарбат буолбуттар. Айылҕа анаан биэрбит талаана, бэйэтин сатабыла өйөбүл буоланнар, Аянитов киһи-киһитинэн буола түспүт. Кини көнө суолга үктэнэригэр төрүөт буолбут ыраас санаалаах уолаттарга анаан-минээн инструментальнай пьеса суруйбут. Филармония артыыстара хоту гастроллуу барар буолбуттарыгар тылланан кэлсибит. Бүгүн уолаттарга анаан суруйбут махтал иэйиилээх пьесатын Толялаах Федя түбэһэн истибиттэриттэн
истибиттэриттэн Аянитов олус үөрбүт, хайдах эрэ ытык иэһин толорбут курдук санаабыт. Олох араас буоларын, очурдаах-уустуктаах да буолтун иһин, үрүҥ күн сырдыга баҕалааҕын, эрэй элбэххэ үөрэтэрин уолаттар сөҕө-истэ түүн үөһүгэр диэри олорбуттара. Юлия Ивановна ыалдьыты хонноро ыҥырбатаҕар уола кыйахана сыһан баран, Федялыын киһилэрин кулуупка атаара барбыттара. Дьиэтигэр кэлэн, Толя иһитин хомуйа сылдьан, элбэҕи эргитэ санаабыта. Куорат арыгыһытын киэр аспакка, хата, Аянитов ыраас өйүн тутан, көнө санааҕа киирэн, киһи бэрдэ, саха саарына буола түспүт. Сарсыныгар 11 чааска уолаттар, Аянитовы пуорка атаара, таба этэ, балык кэһиилээх тиийбиттэрэ, дэриэбинэ дьоно артыыстарга эмиэ кэһии туттартаабыттара, ким да маппатаҕа. Толя дьиэтигэр кэлбитэ ийэтэ ытыы олорор:
— Ийээ, ыарыйдыҥ дуо? — диэн ыйыппыта.
— Толя, ити Алексей эн аҕаҥ буолар.

— Кими этэҕин?! Алексей Аянитов мин аҕам дуо? Оттон кыра сырыттахпына, аҕаҥ лүөччүк этэ, экспедицияҕа сылдьан саахалга өлбүтэ диэччигин буолбат дуо?
— Ол саҕана атыннык этэр кыаҕым суоҕа. Москваҕа үөрэнэ бараат сүппүтэ. Сатаатар 90-с сылларга харчы суоҕа да бэрдэ, оннооҕор дьонун көмөргө кэлбэтэҕэ. Эйигин төрүүрбэр суос-соҕотох этим, тулаайах киһиэхэ ким көмөлөһүөй, ыксаан бу хоту үлэлии кэлбитим.
— Кини эмиэ эрэйдээх олоҕу олорбут буолбат дуо, аһыммаккын дуо?
— Мин даҕаны, соҕотох дьахтар, үйэбэр үтүргэҥҥэ, үүйэ тутар кырыымчык олоххо олорон кэллим, дьолум диэн ааттыырым кэмчи курдук.
— Оччоҕо мин хайыыбын?
— Билбэтим, билигин эн улахан киһигин, бэйэҥ быһаарынаар. Ити үс сыллааҕыта, баҕар, хааныҥ тардан, табах-ас биэрдэҕиҥ буолуо. Олоххо араас
да түгэн баар буолар эбит. Былыргылар итини эттэхтэрэ «инникини тымтыктанан көрбүт суох» диэн.
— Кэнсиэргэ олорон «ханна, хаһан көрбүт киһибиний», — диэн таайа сатыы олордохпуна, ити айымньы олуһун да соһутта. Федя эмиэ сөхтө аҕай. Ити айылаах мааны, кыраһыабай артыыс били киһибит буолуо диэн өйбүтүгэр даҕаны оҕустарбатахпыт. Киһини таҥас-сап уларытар да буолар эбит.
— Леша эдэригэр кыыс аймах хараҕа хатанар уола этэ. Эн киниэхэ майгынныыгын ээ, уҥуоҕуҥ улахана, сырдыгыҥ.
— Бай, оччоҕо мин эмиэ «красавчикпын» дуо? — иккиэн күллүлэр.
— Өйүн тутан, талаанынан дьону үөрдэ сылдьарыттан үөрдүм.
— Оччоҕо бырастыы гынныҥ дуо?
— Аны кэлэн аахсар үһүбүөн. Хомойбутум-хоргуппутум элбэҕэ сыттаҕа. Чэ, ол хааллын.
Ийэлээх уол устунан арааһы кэпсэттилэр,
кэпсэттилэр, эйэ дэмнээхтик эбиэт бэлэмнээн, өр аһаатылар. Быһата, олох устар, устар бэйэтин дьаалатынан.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2022 23:04

ТОҤУС КҮӨЛ

Кырыара чоҥкуйа тоҥмут сир - халлаан тугу эрэ кэтэспиттии иһийэн турар им - дьим кэмэ саба бүрүүкээтэ, мастар сэмнэх хаары бүрүнэн , сабыстан - барыаран хаары кытта хаар буолан ыга баттанан сыталлар. Тымныы кытаҕас илиитэ ытарчалыы ыбылы ылла. Тугу барытын туруорбутунан тосторута тутуох курдук томороон кэбин кэптэнэн , тимир тириитин кэттэ. Тыына ыйааһыннанна - тыҥааһыннанна… Ойбон уута дөйө тоҥон дэлбэритэ барда, сир ынчыктыы иҥиэтиннэ, дьиикэй тымныыттан хабырынан ылла, хабырытта тыаһаата. Маннык хабараан тымныыларга киһи сэрэнэн - кэтэнэн сылдьар баҕайыта буолаахтаатаҕа, быһата, урааҥхай саха хас хардыытын ааҕан хаамар күнэ - дьыла үүнэр. Ылбычча киһи санаммат тымныытыгар арай уолҕамдьы, хаҥыл уолаттар баайыыларын барытын сүөрүнэн, халыстык, дорҕоонноохтук айаннаан , кыһыҥҥы дьыбары сатарыттахтара, дөйөн турар салгыны хайыттахтара буоллаҕа !.. Сеня табаарыһа массыына ылыммыт үөрүүтүгэр, айааһыы таарыйа , икки көстөөх сиргэ , ыаллыы нэһилиэккэ, убайын ааҕар күүлэйдии кэллилэр. Таарыччы , кистэлэҥ - бүөмчү санааларын иһирдьэ үтэйэн, кулуупка киирэн тахсыбыттара, Сеня кыргыттары кистии - саба кылап гынан көрөн ылбыта. Кыргыттар барахсаттар күлэн лыҥкынаталлара Сеня кулгааҕар кэрэ музыка буолан иһиллибитэ, сүрэҕэ бэрт минньигэстик нүөлүйэн ылбыта. Эдэр саас барахсан имэҥнээх иэйиитэ туҥуй уолчааны сиһин этин кычыгылатта, онтукайыттан кыбыстан аһын саҕатыттан кытарда, таһырдьаны таласта. Хорсун санаатын киллэринээри , тымныыны аахсыбакка бөлүөхсэн турар уолаттары кытта эр - биир быһаҕас бытыылканы уос - тиис үллэһиннэ. Хотоойутук сананан , төттөрү кулуупка суулаһан киирдилэр , үмүөрүһэн турар кыргыттар лыах курдук үрэл гыннылар , сэмэй уолчааны кыһытардыы чугаһыы - чугаһыы тэйэн биэрэллэр. Эйэҕэс мичээри бэлэхтээн эдэр уолу эппэҥнэтэ үөртүлэр , күүстээх музыка уохтаах тэтимэ атаҕыттан ылан эргичитэн кулахачытта , мэйиитин күөгэлдьиттэ. Оо, сирдээҕи олох үтүмэн үөрүүтэ үчүгэйиэн, кыргыттар барахсаттар киһи хараҕа халтарыах кэрэлэрин эриэхсит !.. Астына - дуоһуйа үҥкүүлээн , үөрэн - көтөн чомпоолуктаспыт уолаттар, массыыналарын эрчимнээх соҕустук урууллаан , быһа суолунан Кулуһуннааҕы тутустулар. Айаннарын аартыгыттан хара маҥнайгыттан салаҥнык айаннаан, иһийэн турар чуумпуну тоҕо солоон, бүөрэмдьи чуҥкуйан турар куһаҕан тыыннаах сир сиигэ аһыллан , массыыналара барбат буолан хаалла. Ыгым тымныы сонно тута , күүттүм - күүппэтиэм диэбиттии , илгиэлэнэн - илгистэн , оҕочоос уолаттары турар сирдэригэр тула холоруктатта , уйаларыгар уу киллэртээтэ. Төрүкү да чараас таҥастаах Сеня ыбыгырас буола тоҥно, хайдах да биир сиргэ хам хараҕаланан үлүйүөн баҕарбата , быһылаан буолуох быатыгар, тыл ыһыгынна: - Мин урут бара турабын дуо , манан оттуур сирбинэн быһа түһүөм , хаамтахпына ириэм дии,- диэн бэлиэр тоҥон ытыстан хаалбыт сыҥааҕын атытан , бөлүөстүбүт куолаһынан ыйыта былаастаан эппитэ буолла , санаатыгар, тымныыттан куотардыы иннин диэки түһүнэн кээһээхтээтэ. Будулуйбут - бөтүөхтээбит хара туман уол сордооҕу хараҥа, дириҥ куолайыгар ыйыстан ылла. Хабыалас тымныы аччык бөрөлүү онолуйа улуйан , тэһииниттэн мүлчү туттарбыт сылгылыы, уолу үргүттэ , татыаккалата ойуолатта . Айаныттан туора тардан ылла , суолун бутуйда , симэлиттэ. Суолун сүтэрбит муҥнаах , өрө уһуутуу - уһуутуу , хаарга төттөрү - таары булумахтанна. Суох… Суола сүппүт ! .. Тымныы обургу тута кумахтаан , уол эрэйдээҕи энэлитэн ый ытыытын ытатта , орто дойдуга айыллан күн сирин көрдөрбүт ийэтин ыҥыран муҥнанна… Хараҕын уута саккыраан түһэрин саппыйаан бэрчээккитинэн туора хаһыйда , онтукайа муус кыаһаанынан сирэйин хаарыйда. Дүлүҥ курдук буолбут илиитин чараас синтепон истээх курткатын иһигэр уган иһин сылааһыгар ириэрэ сатаата да, илиитэ тугу да истибэт буолбут. Аатыгар эрэ ааҕыллар кытай бачыыҥката тордоччу тоҥно, атаҕын үмүрүччү тутта , адаҕа курдук хам ылла , сыратын - сылбатын эһэн хаары оймотто. Өйдүүн - санаалыын дөйө тоҥмут уол муҥнаах , иннин диэки тыын быһаҕастаһан , ыйдаҥа сырдыгар барыһан көстөр дьиэлэр омоонноругар харбыаласта. Бу - отчуттар сайыннары - күһүннэри хойуккуланар дьиэлэрэ. Бу- кыһынын да айанньыттар кэлэ бара ааһар Ойбон Күөллэрэ. Дьэ, кырдьык даҕаны , бу сир өбүгэ саҕаттан тутуһуллан кэлбит үгэһин ыһыктыбакка турар буолаахтаатаҕа ! Ол эрэн, хайыы үйэ илиилэрэ- атахтара үлүйэн кэлбит уолчааны , аһыммытын иһин хайаахтыа баарай, айылҕа тыйыс хаамыытыгар бас бэринэн , уордуйа уорааннанан , кырыара чоҥкуйан көрүстэҕэ … Кыл тыына хаалбыт , бүтүннүү хаар буолбут эрэйдээх иччитэхсийэн көҥдөйдөммүт дьиэҕэ " дар ! " гына сууллан түспүтэ ньиргиэрдэнэн иһилиннэ , түөр атах буолан оһох диэки үнүөхтээтэ , испиискэ көрдөөн харбыаласта. Илиилэрэ тугу да билээхтээбэт буолбуттар, үлтү үлүйбүт киһи хантан таба тутаахтыа баарай? Харыһыйтарара эрэ хараҕын уута буолаахтаатаҕа !.. Титирэстиэҕэр диэри бабыгыраччы тоҥон өйө - мэйиитэ ыһыллыбыт , уйулҕата көппүт киһи таһырдьаны таласта. Киҥэ - наара холлубут тымныы уол эрэйдээҕи муус ураҕаһынан үүрэн Тоҥус Күөлүгэр тоҥуу хаары оймоохтотон аҕаллаҕа. Бу Тоҥус Күөлэ диэн туһугар кэпсэллээх, иччилээх сиринэн биллэр эбит. Былыр бу түбэҕэ баай ыаллар үтүөкэннээх үүнүүлээҕин таптаан - биһирээн сүөһү ииттэн , сылгынан өрө охсон байан, тастан да тарааччылаһыы суох буолан бэрт бүөмчүтүк , чуумпутук , нүөл турааннык олорбуттар. Оччотооҕу сиэринэн , баай кыанар ыал буоланнар, биир уол оҕолоохторун куоракка ыытан үөрэттэрбиттэр. Уоллара үөрэҕин бүтэрэн кэлэригэр кэргэннэнэн , оҕолонон - урууланан олоруо диэн тоһуйан , аҕата киһи , анаан- минээн , биэс - алта хостоох ааттаах улахан дьиэни туттарбыт. Дьэ, ол эрэн , киһи хараастара , ананан , маалланан тутуллубут дьиэ иччитин көрөөхтөөбөтөх. Көрөр харахтарын дьүккэтэ буолбут уоллара барахсан , куораттан ыалдьан , уһугулаан , атаҕынан таҥнары тиэллэн киирээхтээбит. Ыра санаанан тутуллубут дьиэҕэ үс эрэ күн буолаахтаабыт , тыына быстыбыт. Улаханнык аймаммыт аҕа киһи барахсан , кэмсинэн - кэмиринэн , уордайан - абаран туран, хара күлү төбөтүгэр куттан , тыл киэнин күүстээҕин , ыараханын туттубут , өһүөтүн кэрдиммит . Ол кэнниттэн бу дьиэҕэ уһуннук олорботохтор , бары имири эстибиттэр. Онтон куттанан - кумуйан таһынааҕы ыаллара бары тэскилээбиттэр. Аҕыйах кэм иһигэр олоҕунан толору ньиргийэ олорбут түөлбэ кураанахсыйа түспүт, өтөххө кубулуйбут. Бу өтөх суоһунан - суодалынан чугастааҕытын чуурдаабыт , ыраахтааҕытын ыырдаабыт. Онтон чаҕыйан буолуо, ыраахтан- чугастан ыҥырсан - тардыстан дьиэни күрдьэ кэлбиттэр . Ол эрэн, дьиктитэ диэн , дьиэ бэйэтин күртэрбэтэх. Ким атаҕын сүгэтигэр охсуммут, ким дьиэ үрдүттэн сууллан түспүт , атаҕын тоһуппут , кими мэнэриппит , кэҕэлии кукууктаппыт, хахханныы хахаарыппыт… Өйдөрүттэн тахса куттаммыт дьон дьиэни үрэйбэтэхтэр, тэскилиир аакка барбыттар. Ол оннук чугастааҕытын чордообут сүрдээх - кэптээх сиргэ кэлэн турарын уол оҕо чараас уйан сүрэҕэ сири аннынан сэрэйбитэ , кута - сүрэ таайбыта буолаахтыа!.. Ол иһин буолуо , арай дуу, илэ бааччы дуу , кыраһа хаары ойуулуур - ойуулаабат , үктэнэр - үктэммэт хааман , бэйэтин бараллаата уол утары тахсан кэлбитигэр улаханнык соһуйбатаҕа. Иккиэн тургутуспуттуу утарыта көрсүһэн таалан турдулар. Көстөөччү уол хара саарба бэргэһэтин сэгэтэн , кыбытыы курдук кыараҕас харахтарын симиритэн , биһиги уолбутун чинчилиирдии атаҕыттан баһыгар диэри өрө көрөн таһаарда , ыраахтан эҥсиллэн иһиллэр курдук саҥалаах буолла: - Урааҥхайга көрүҥнээх дараҕар уҥуохтаах , уһун сотолоох уола хаан бэрдэ эбиккин !.. Мин да инчэҕэй эттээх , оргуйар хааннаах эрдэхпинэ атахпынан оонньуурбун сөбүлүүр этим ээ. Күрэстэһэн көрөр буоллахпыт оччотугар ! Хоппут дьолуота - соргута! Хотторбут кыһыыта - кэмсиниитэ ! - диэн эттэ , хара таба тыһа курумуу этэрбэһинэн хаары үрдүнэн үмүрүччү үктээн, уолу батыһыннаран , саһыл истээх үтүлүгүнэн көмнөх хаары бүрүммүт харыйа лабаатын хаһыйда. Иннилэригэр харахтаах эрэ биһирии көрүөх ып - ыраас , төп - төгүрүк алаас арылыйан көһүннэ. Оол курдук алаас көстүүлээх өттүгэр сүүнэкэн улахан дьиэ дьоһуннааҕа дьэндэйэн турар. Дьөрү кыыл тыҥыраҕа да бэлиэтэммэтэх , көтөр да тумса ойууламматах айылҕа ыраас ырааһыйата бу буоллаҕа, кэрэ түөлбэтэ ! Дьэ туран, этиэхсит киһи бэйэтэ инникилиир, ып - ыраас хаар үрдүнэн түүлээх хааһаҕы эһиэлиир курдук быраҕаттанан , үстэ - түөртэ буурдуур. Уолбут кэнниттэн түсүһэр , тустаахха бэрт ырааҕы ойон ууналатар . Быһыыта , итини этэн эрдэхтэрэ өбүгэлэрбит барахсаттар муҥунан түһүү диэн - олох иһин охсуһар оонньууну, көстүбэттиин күрэстэһэри !.. Хара тыын хараһыга , үрүҥ тыын өллөйө ! Оо, сирдээҕи олох диэн күүстээх буолар эбит !.. Ол иһин биһиги уолчааммыт өлөр өлүүнү кытта эрбии биитинии эрийсэн эрдэҕэ !.. Оонньооһун буолан баран омуннаах , ойооһун буолан баран уохтаах! Тиритии - хорутуу барар , сон нэлэккэйдэниитэ , бэргэһэ да устуута буолан барар. Дьэ туран дуу, тургутуспуттарын көрсүһүү - истиһии буолаллар. Онно бүдүйэн көрдөхтөрүнэ , уолбут ойбут суолун сабар - саппат ойуу түспүт. Били инникилиэхсит үөһүн тартаран хаччыгыныы түһэр , өрөгөйдөөх хаһыыта тымныыттан чиҥээбит салгыҥҥа сатарыыр… Сарсыҥҥы күнүгэр муммут уолу сүтүктээн суоллааччылар суолунан ирдээн кэлбиттэрэ , харах ыларынан киэҥ ырааһыйаҕа киһи кыайан хаампат халыҥ хаарыгар сүрдээх улаханнык буурдаабыт суолугар олорбутунан тоҥмут уолу булан ылбыттара. Сонун арыммыт , атаҕын таҥаһын уһулбут этэ… Итинник быһылаан буолан ааспыт амырыын тыыннаах кыһыммыт өрөгөйүгэр. Эдэр дьон , тохсунньу - олунньу томороон тымныытыгар чараастык таҥнымаҥ , сэрэхтээхтик сылдьыҥ! Аламай маҥан күн арыаллаатын ! Орто Аан Ийэ күн эҥээрдэстин ! Дом ! Дом! Дом !

Валентина ДМИТРИЕВА- БАЙААНА.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
09.11.2022 03:02

ТИҺЭХ КҮН

– Аҕаа, мин ийэлээх этим ду? Баара буолуо ээ, хайдах миэхэ эрэ суох буолуой, оҕолорго барыларыгар баар ди, баҕар ыраах барбыта буолуо ду, сотору кэлэр ини, ди аҕаа?, – аҕыстаах Фомка харахтарын күн уота саатытарын симэ сатыы-сатыы, үөһэттэн туох эрэ түһүөҕүн кэтэспиттии, хантайан турда.

– Э чэ, бу уол эмиэ буолары-буолбаты лахсыйан барда! Бар тарбыйахтаргын далга киллэртээн отторун биэр, хайа түспүт ыстааҥҥын киэһэ абырахтыаҕым, билигин эргэҕиттэн тугу эмит анньынан бараар, – аҕата тыраахтарынан уу баһан аҕалбытын дьиэҕэ таспытынан барда. Уолчаан «һай-һат» буолан тарбыйахтарын киллэртээн, отторун биэртэлээн, далын аанын сапта, хотонугар киирэн саҥа төрөөбүт ньирэйин имэрийдэ:

– Оннооҕор эн ийэлээххин, абыраммыккыын, ийэн эйиигин таптыыр, аһатар, – Фомка барахсан хараҕыттан таммах уу иэдэһин устун сүүрдэ… Киэһэ аайы, утуйуон иннинэ түннүгүнэн халлаан диэки хантайан туран, “айыы таҥара көмөлөс, ийэм миэхэ кэллин “ – диэн сибигинэйээхтиирэ. Биир күн баҕарар баҕата туолбута эрээри… Оскуолатыттан кэлэн иһэн, таарыйа килиэбин ылаары, дьиэтигэр туоруур суолга муннукка турар дьоҕус маҕаһыыҥҥа киирдэ, наадатын ылан ол-бу оҕо ымсыырар малларын көрбүтэ буола турдаҕына, таһыттан ыаллара Абытай Ааныска айдааран киирдэ:

– Суураа, дьэ иэдээн буолбут быһыылаах, ыалбыт Сахаарап Арамааннаах тастарыгар милииссийэ диэн, ускуорай массыыната диэн, - Фомка турарын өйдөөн көрбөккө, өттүгүн охсуна-охсуна умайыктанан кэпсээн истэҕинэ, уол таһырдьаны былдьаста. Килиэбин кыбынан, харса суох сүүрдэ, арай дьиэтигэр чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, аҕата илиитин кэннигэр туттан, милииссийэ хомбуойдаах олбуоруттан тахсан массыына диэки баран иһэрэ:

– Аҕаа, ханна бардын? Онтон килиэппит, – ыксалыттан Фомка хаһыытаан ыйытта.

– Сотору кэлиэҕим, күүтээр! – аҕата Арамаан өрүү да буоларыныы, баргыатаан саҥараат массынаҕа дьылыс гынан хаалла. Фомка дьиэтин күүлэтигэр чугаһыырыгар икки атахтара баата курдук этилэр, эмискэ хаптаһын аан тэлэллэ түспүтүгэр икки үрүҥ халааттаах дьон наһыылкаҕа бакырыбааланан сабыллыбыт туох эрэ киһи таһаатыгар майгылыыры көтөҕөн таһааран эрэллэрэ, түүл-бит курдук өйдөөтөҕүнэ, абаҕата дьиэ аанын хатаан, уолу илдьэ барбыта…
– Аҕам ханна барда? Тоҕо эһиэхэ кэллим? – Фомка абаҕатыттан үрүт-үөһэ ыйытан көрдө да абаҕата Аркаадьый тыл ыһыктыбатаҕа. Барахсан эрэй да бөҕөтүн көрөөхтөөбүтэ, саҥаһа, хаһан да төрөөбөтөх, төрүкү күтүр дьахтар күн аайы киҥир-хаҥыр саҥатыттан куттанан хостон да тахсыбат этэ, аһыыр аһа да ас буолбатаҕа. Абаҕата көмүскэһэн тыл ыһыгыннаҕына: «Киэр гын, оҕо дьиэтигэр илдьэн туттар! Өлөрүөхсүт оҕото туох аанньа буолан улаатыа биллибэт!» – диэн силбиэтэнэрэ. Биирдэ иккиэйэх хаалбыттарыгар саҥаһа дуона суохтан кыыһыран уолу иргиэлии-иргиэлии: “Эн аҕаҥ хаайыылаах, ийэҕин өлөрбүтэ, эн эмиэ кинини батыаҕыҥ” – дии-дии сарылаабытыгар Фомка төлө көтөн таһырдьа ытыы-ытыы атах балай сүүрбүтэ… Дьиэтин аанын олуйан киирэн, аҕатын оронугар олорон уйа-хайа суох ытаабыта, устунан утуйан хаалбыт этэ. Дэлби тоҥон уһуктубута, хайыаҕай, аа-дьуо абаҕатын аах диэки хааман сукуҥнуу турбута. Ол түүн утуйбакка аҕатын, харахтаан көрбөтөх ийэтин санаан тахсыбыта…
Фомканы кылааһын оҕолоро кырыылаах харахтарынан көрөллөрүттэн, учууталлар аанньа аахайбаттарыттан бэйэтин сэнэнэрэ, аҕатыгар кыһыыта-абата бэргээн испитэ. Бэйэтигэр бүгэн, аат эрэ харата сылдьаахтыыра. Биирдэ табахтаан тутуллан, оскуола мунньаҕар дьүүллэммитигэр, саҥаһа абаҕата суоҕуна үүрэн кэбиспитэ. Уол муҥнаах хайыа баарай эмиэ дьиэтигэр кэлээхтээбитэ, бүтүннүү быылынан бүрүллүбүт эргэ хомуот тардарыттан хаһааҥҥы эрэ саҥа дьылга аҕатынаан түспүт хаартыскаларын хостоон түннүк сырдыгар көрөөхтөөтө. Эмискэ истиэнэ быыһыгар кыбыта анньыллан турар кыптыыйы ойутан ылан аҕатын сирэйин харса суох дьөлүтэ анньыалаата: «Барыта эйиигиттэн! Кимиэхэ да наадата суохпун, бары ырааҕынан куота-тэйэ сылдьаллар, «хаайыылаах оҕото» - диэн аат хара мэҥ буолан иҥтэ!» ¬ диэн хаһыытаабыта кураанах дьиэ иһигэр дуораһыйда. Ол турдаҕына, кэннигэр «Дорообо!» диэн олуһун билэр куолаһа иһилиннэ. Фомка хараҕын уутун соттоот аан диэки хайыспыта – аҕата Арамаан нүксүллэн турара. Барбах сааһырбыт, бытыктаммыт, урукку киэпкэтин умса кэппит, тиэриммит уу саппыкылаах атахтарынан чиҥник үктээн утары хаамта. Уол биир илиитигэр кыптыыйдаах, биир илиитин сутуруктуу туппутунан үрдүгэр түһэн истэҕинэ, аҕата илиитин кэдэрги эргитэн кыптыыйа муостаҕа «талыр» гына түстэ.

– Чэ, уоскуй нокоо, кэлиэм диэбитим дии, уруккубут курдук иккиэн олоруохпут, уоскуй, улахан киһи буолбуккун, бараҥҥын малгын-салгын хомунан кэл, оһохпутун оттунан дьиэбитин сууйуох-тарыах… Киэһэ чэйдии олорон уол аҕатыттан:

– Эн ийэбин өлөрбүтүн дуо? Тоҕо? Хайдах? Мин кинини көрбөккө да хаалбытым ди, «өлөрүөхсүт оҕото» аатыра сылдьабын, – Фомка икки харахтара уунан туолан олордо.

– Балыырга түбэһиннэрэн, чэ кэпсиим… Эн ийэҕин Миланы кытта аармыйаттан кэлэн иһэн, Дьокуускайга билсибитим. Оптуобуска уун-утары олороро, көрөөт сөбүлээбитим. Илин Эҥэртэн төрүттээх, үөрэххэ туттарса кэлэн баран бырабааллаан үлэ көрдөнө сылдьар этэ. Уонча күн ухаасыбайдаан дойдубар сүгүннэрэн аҕалбытым, дэриэбинэ дьоно ханна да буоларыныы көрүү-истии, сии-адыы бөҕө буолбуттара. Бу дьоммут дьиэтин сөргүтэн олорон барбыппыт. Милам балыыһаҕа пуобарынан мин оробуочайынан үлэбитин саҕалаабыппыт. Олорбуппут иккис сылыгар аан маҥнай киниэхэ илиибин көтөхпүтүм, ол кэннэ суох. Күнүүттэн, дьон үөннээх тылыттан, «мусукаан киһилиин куодуруспут» – диэн сурах дэриэбинэни биир гына сүүрбүтэ, таптыырым бэрт этэ, аҥардастыы таптыырбыттан бырастыы гыммытым… Эһиилигэр эн күн сирин көрбүтүн. О, мин саҕа дьоллоох киһи бу Аан дойдуга суоҕун кэриэтэ буолбута, Милабын хайдах да маанылыахпын булбат этим. Кэнникинэн киһим киэһээтин «дьүөгэлэрбэр бардым» диирэ элбээн барбыта, чэ кырдьык, күнү күннүктээн соҕотоҕун оҕоҕо баттатан олороохтуур, баран сэргэхсийдин, диэн соччо кыһаллыбакка эйиигин көрө хаалар этим.
Эн биир сааскын туолар күҥҥэр оройуон кииниттэн ас-үөл, таҥас-сап кэһиилээх кэлбитим Милам суох этэ, хоско киирбитим эн утуйан буккуруу сытарын, остуолга сурук оҕото «Миигин көрдөөмө, атыны таптаатым, Фомканы кэлэн ылыам, бырастыы…» – бүттэ. Ыйы ыйдаан аһыы утахха төбөм оройунан түспүтүм, абаҕан кэлэн араастаан этэ сатаан – мэлигир, үлэбиттэн уһуллан, киһи аатыттан ааһа сыһан нэһиилэ эйиигин иитэр туһуттан атахпар турбутум уонна ол дьаат аһыттан букатыннаахтык аккаастаммытым. Сүөһү ииттэн, тыраахтарданан, оттоон-мастаан син ыал аатын ылан олордохпут ди. Бириэмэ эмтиир дииллэр да, мин олоҕум бааһын оһордубатаҕа… Милабын күн аайы саныыр, ахтар этим, кылгас да буоллар кинилиин дьоллоох олохпутун…Аҕыс сыл тухары биирдэ да биллибэтэҕэ, сурук дуомун суруйбатаҕа, ол мусукаан киһитинээн барбыт айыытынан сырыттаҕа. Дьэ уонна ити хара дьайдаах күн дьиэ аана аргыый аһыллан Милам илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Уруккутуттан аччаан-куччаан, ыран хайа охсубут аҥаара эрэ хаалаахтаабыт этэ, хараҕа көҕөрбүт, хааһын үрдүнэн улахан хайдыылаах, доҕолоҥнуур этэ: «Арамаан, попуутканан куотан кэллим, бырастыы гын, оҕом?» – диэт иннибэр сууллан түспүтэ. Мин ыксалынан биэссэр ыҥыра сүүрбүтүм, ол күн сатаха милииссийэлэр бэрэбиэркэҕэ тахса сылдьаллар эбит этэ, дьиэбэр кэлбитим Милам барахсан тыына быстан сытаахтыыра… Оо абаккам! Ол сахха эккирэтэн, тобуктаан туран, атаххар иилистэ сылдьан көрдөһөн-ааттаһан төттөрү илдьэ кэлбит буолуум даа, дьиккэр баара, күнүүлээн быһа сытыйаммын тапталлаахпыттан маттаҕым,- дии-диибин Милабын кууһан, хаһыытыыр икки, ытыыр икки олордохпуна кэлэн тутан илдьэ барбыттара… оҕом барахсан – эн сүүрэн иһэрин харахпар хатанан хаалбыт…
Фомка оҕотук санаатыгар аҕатын бырастыы гынан, аҥардас кэлбититтэн үөрэн, салгыы ыал аата олорон барбыттара. Абаҕатын аахтан сүөһү ылан, төрөтөн ииттибиттэрэ. Арамаан төрүкү да кытаанах киһи уолун тимир-тамыр курдук тутара, ханна да ыыппат этэ. Оскуолатыттан кэллэр эрэ өрүү хотон, дьиэ ис-тас үлэтэ… Биирдэ саас аҕатыттан күрээн, уолаттары кытта походтаан кэлбитигэр, аҕата күлүүкэнэн кырбаабыта, саҕатыттан ылан соһон истэҕинэ Фомка тэбиэлэнэн ойон турбута:

– Түксү, бүт! Манна эн хаайыын хаамырата буолбатах! Аны биир муостанан хаамыам суоҕа! Эбэтэр ситэри тыыммын быс! Бардым мин, бэйэҥ олор, абыраныаҥ, сынньаныаҥ!… Арамаан киһи эрэ буоллар соһуйан туран хаалбыта, уолун эккирэппэтэҕэ даҕаны. Фомка үөрэх дьылын табаарыһын аахха олорон түмүктээт тохсуһунан оройуон киинигэр барбыта, үс сыллаах суоппар үөрэҕин бүтэрбитэ. Кэлин хоту вахтаҕа үлэлээбитэ. Ол тухары биирдэ даҕаны аҕатыгар бара сылдьыбатаҕа, аҕата даҕаны хам-түм оройуоҥҥа наадатыгар киирэрэ эрээри, уоллаахпын диэн сураспатаҕа… Фомка сэттэ сыл буолан баран, күһүн табаарыһын сыбаайбатыгар дойдутугар тахсыбыта. Аҕата ыалдьар сураҕын истэн, сынньалаҥ кэмигэр массыынатынан дьиэтин аттыгар тиийбитэ эрээри, санаата оонньоон киирбэтэҕэ…

– Киирэ сылдьыаххын Фомка, тугун-ханныгын билсэ, төһөтүн да иһин аҕаҥ буоллаҕа ди, санаатыгар кэтэһээхтиирэ буолуо…,- табаарыһа уолу атаара туран тыл ыһыктыбыта.

– Чэ, бэйи өссө да кэлэ сылдьыам ди, хата ити кэргэнин дьүөгэтин түлүпүөнүн нүөмэрин ыытаар эрэ, – Фомка бэрт бэтиэхэлээхтик табаарыһыгар имнэнээт массыынатын собуоттаан, куорат диэки хайысханан элээрдэ турда…
Фома Романович, ыраах улуустарга ас-үөл, тутуу матырыйаалын таһар чааһынай фирма салайааччыта, аныгылыы тупсаҕайдык оҥоһуллубут сып-сырдык саала хос төгүрүк остуолугар кэргэнинээн Леналыын уонна үстээх кыысчанынаан Милалыын киэһээҥҥилэрин аһаан, күннээҕи сонуннарын үллэстэ олордохторуна, табаарыһа звоннаата:

– Фомка, ыксал буолла, республиканскай балыыһаҕа ыстаннар, аҕаҥ ыҥыттарда, бөлүүн куораттаппыттара бэргээбит быһылаах, чэ кытаат, бара оҕус!,

– Туох буолла? Аҕаҥ дуо? Биһиги барсабыт! – кэргэнэ тэбис-тэҥҥэ ойон турда…

Фомка палатаҕа киирбитигэр ыарыһахтар биир-биир тахсан бардылар, Арамаан, ким да иннигэр төбөтүн төҥкөппөтөх бэйэтэ хайа охсубут аҥаара эрэ сытаахтыыр, арай хотойдуу хонтоҕор мунна эрэ хаалбыт, чараас халтаһаларын арыйан уолун диэки көрдө:

– Өр да күүппүтүм ээ Фомка, маннык киирэн кэлэргин, хомойуох иһин бу бүтэһик көрсүһүүбүт буолаахтыа, өһү-сааһы өйгөр тутума, салгыы сайдан ис. Сор киһитэ – мин! Эйиигин аҥардастыы эрэйдээн, сутуругум иһигэр тутан…ол эрэн санаабар эйиэхэ үчүгэйи эрэ баҕаран барыттан бары күөмчүлүүр курдугум, дьалхааннаах олохтон харыстаан, онтукам баара… хата эн онтон тостубатаххын, маладьыас!

– Аҕаа, мин эмиэ көрсүһэрбитин өйбөр элбэхтэ ойуулаан көрбүтүм, эмискэ киирэн кэлиэхпин төһөлөөх баҕарар этим, эрээри маннык түгэҥҥэ буолбатах! Барыта сыыһа! Бырастыы аҕаа, бырастыы гын! – Фомка икки хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрдэ.

– Чэ эрэ нокоо, кэмсинэн бүт! Ааспыт аастаҕа ди! Сураҕа ыал буолбут үһүгүн, кийииппин, сиэнчээммин көрбөт киһи буоллум, - Арамаан хап-хатыҥыр тарбахтарынан суорҕанын кытыытын мускуйда. Фомка ааны өҥөс гынан: «Лена, киириҥ эрэ» – диэтэ. Сэрбэйбит кыысчаан сүүрэн киирэн эһэтин аттыгар турунан кэбистэ.

– Көр эрэ бу киһичээни, үкчү эбээтин Мила, мин Милам курдук эбит буолбаат! – Арамаан ыарыытыттан уолан эрэр харахтара бэл сырдыы түстүлэр.

– Аҕаа, ааттыын Мила диэн ээ, эрээри улахан аата Милена, - Фомка кыысчаанын сыллаан ылла.

– Оо, санаам барыта туолла, дууһам чэпчээтэ. Оҕолоруом кытаатан тапталгытын харыстааҥ! Уолчааным бырастыы! – Арамаан ис-иһиттэн дириҥник өрө уһуутаат налыс гынан хаалла…

– Аҕаа, ханна бардын, онтон килиэппит? – кырачаан Фомка сүүрэрин быыһыгар аҕылыы-ыҕылыы хаһыытаата. Аҕата кэннин хайыһан көрбөккө бара турда…

– Бырастыы гыммытым ээ аҕаа, эрдэ бырастыы гыммытым…

Татьяна Кириллина – Татыйык Уус – Алдан, Найахы

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
14.11.2022 15:56

УБАЙЫМ БАРАХСАН.

Сааска, оройуоҥҥа киирэн, сылдьар сирэ элбэх буолан кырдьаҕас убайыгар хонор буолла. Убайыгар тиийбитэ, хата дьиэтигэр баар эбит. Сэттэ уон биэс саастаах диэтэххэ, билигин да киирэн тахсан, баран кэлэн, биир сиргэ таба олорбот оҕонньор. Хаарын күрдьэн, тиритэ хорута сылдьар эбит. Миигин көрөн күрдьэҕин күрдьүккэ батары анньан баран, үтүлүгүн устан дорооболоһон үөрдэ көттө. Хайдахпын, доруобуйабын сураһан баран дьиэҕэ ыҥырда. Чэй бэлэмнии сылдьан, күннээҕи сонуну ыйыталаста. Остуол ортотугар, кэһиибин биир иһити, килибэччиппитинэн туруоран кэбистим. Убайым барахсан үөрэн, ол иһин да эрэйэ санаабытым диэн баран, өттүгүн охсунан ылла. Буоккаларын аҥардатан, күө дьаа буолан олордохторуна саҥаһа кэлэн дорооболоһоот, сонун уста туран буокка диэки көрө көрө сөбүлээбэтэҕин биллэрэн дьэ бу оҕонньор эмиэ үөрбүт көппүт дии, ол иһин да мааҕыын муннум бэркэ кыһыйбыта дии дии сонун ыйаата. Саҥаһым миигиттэн ону маны сураһа сураһа чэйин кутунна. Биһиги убайбынаан биллэ холуочуйбуппутун көрөн саҥаһым этэр : - " дьэ бу оҕонньор эмиэ өрө мөхсөн киһини бу түүн утуппат, киһи түөһэ түөс да буолбат, киһи сэбэ сэп да буолбат", диэн чэйбэр чачайан тыыммын былдьаспыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. Убайым барахсан мүчүҥнээн ылла.

УРУТ. 22.01.2022

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
14.11.2022 15:57

КӨ5ӨН

Сэтинньи ый 12 күнүгэр Табалаах нэһилиэгэр Николай Николаевич Чукров көҕөнү көтөхпүт хаартыската тарҕанан, бүгүҥҥү күнү сэргэхситтэ. Тыа ыалын сиэринэн, 10 тахса сүөһү хаһаайыстыбалаах, ынахтаах- сүөһүлээх хаһаайын көҕөнү күрүөлээх отуттан булбут уонна Дьулустаан Потаповтаахха илдьэн биэрбит.

Биир ый анараа өттүгэр Илья Петрович Горохов сарсыарда эрдэ 8 чааска, маҕаһыын оһоҕун оттоору баран иһэн Көлүйэ диэки икки суор биир көҕөнү эккирэтэ сылдьалларыгар түбэспит этэ. Ол туһунан Илья Петрович маннык кэпсээбиттээх: «Икки суор киргили эккирэтэн иһэллэр дии санаатым, онтум – көҕөнү эбит. Утары тиийэн суордары кыйдаатым, бэйэбэр саба түһүөх курдуктар, көҕөнү тутаары күрүөм муннугар хаайбыттар. Суордары үүрэ сырыттахпына көҕөн күрүө быыһынан киирэн хаалбыта. Ол икки ардыгар били суордарга эбии өссө икки суор, ол аата 4 cуор эккирэтэн тиийтэрэ.Суолларыттан көрдөххө суордар балай эрэ эккирэппиттэр курдуга. Көҕөн бастакы сиригэр тиийэн оҥхойго саһан хаалбыт этэ».
Илья Горохов ол көҕөнүн Дьулустааннаахха илдьэн биэрбит.
Онон Дьулустаан Потапов иккис көҕөнүн тутта.
Дьулустааннаах урут 3 куһу иитэ сылдьыбыт уоппуттаах дьон. Потаповтар үс оҕолоохтор, 6 кууруссалаахтар, 10 перпелкалаахтар, ону таһынан сибиинньэ, коза, ынах ииттэллэр, хаһаайыстыбалара эбиллэ турар. Онон Горохов көҕөнүн Чукров көҕөнө чуҥкутуо суоҕа.

Уолаттар «Урут маннык буола илик, куһу быйыл эрэ туттубут. Кыһыммыт кэллэ эрээри сиэннэр тоҥо иликтэр, сылгы үктээтэҕинэ муус алдьанар», дэһэллэр.

Кустар соҕуруу дойдуларыгар айаннаабакка Дьааҥыга хааллылар. Бу дьикти көстұұ
айылҕа уларыйыытын билгэлииргэ дылы.

Боотто АСХААРАП

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
15.10.2024 16:18

ПРОДЛЕНКА

➖➖➖➖➖➖➖

Сэбиэскэй саҕана төһө да иччи,абааһы суох диэн үөрэттэллэр,“көстүбэт күүс” баарын итэҕэйиллэр этэ. Оҕо сааска түгэн көһүннэҕинэ кэпсэтэн аҕай биюрэрбит,онтубутун “случай” диэн ааттыырбыт. Сороҕор учуутал ыарыйдаҕына,солбук кэлбэтэҕинэ,учительскайга биллэрбэккэ,кылааска чуумпуран олорон кэпсэтэбит. Случай кэпсиир идэтийбит оҕолор баар буолааччылар. “Арай биирдэ…” - диэн саҕалаан барда да, кулгаах-харах иччитэ буолан истэҕин. Ардыгар саамай кутталлаах түгэнигэр чугас олорооччуну соһутаҕын, ким эмэ куттанан ыһыытаатаҕына ону күлүү гынааһын буолар. Үксүгэр кыргыттар кэпсэтэ олорон- соһуппаккыт,куттаабаккыт, диэн мэктиэ тыл бэрдэрэллэр. Элбэх случай Дьокуускайга буолбут,сүрүн герой - студент уол эбэтэр кыыс кэпсэнэр. Сороҕор бэйэ-бэйэтигэр майгыннаһар случайдар баар буолаллар.

Ол сырыттахпытына “продленнай группа” диэн киирдэ. Уруок кэннэ хаалан уруок үөрэтэбит,эбии үөрэхтээһин курдук. Инньэ гынан киэһэ хараҥаҕа дьиэлиир буоллубут.
Күһүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа быһалыы диэн,ойуурунан сылдьабыт. Тоҕо да эргийэ дэриэбинэнэн барбаппыт буолла.
Икки Сардаананы кытта аргыстаһабын,били күнүс кэпсэппит случайдарбытын санаан кэлэбит. Санаабытыгар ойуур иһигэр толору абааһы,иччи.

Кыргыттарым куттанан,икки өттүбэр икки илиибин хам кууһан иһэллэр. Ол да буоллар,биир илиибэр мастаахпын, онтубунан абааһыны үүрүөхтээхпин. Кинилэр куттаналлара миэхэ эмиэ бэриллэр,хаҕым эрэ иһэр,онтубун биллэрбэт буола сатыыбын. Арааһа фонарик дефицит эбитэ дуу,хайабытыгар да суох. Сырдыкка аахайбакка ааһар чөҥөчөгүҥ,сыгынаҕыҥ,үрдүк мастарыҥ хараҥаҕа отой атын буолан көстөллөр,аны хаппыт мас хаахыныыр тыаһа.
Санаабытын бөҕөргөтөн бэрт улаханнык ырыа ыллыыбыт:

  • От улыбки хмурый день светлей…

  • Раз словечко,два словечка,будет песенка… уо.д.а.
    -Санаабытыгар абааһыттан куттаммаппыт - диэн биллэрэ сатыыбыт. Үөрэппит ырыабыт аҕыйах эбит, ол иһин хат-хат ыллыыбыт, суолбут да уһун.

Саабынаптары аастыбыт да ыал бүтэр." Тайбаан арыыта" ыал олохсуйа илик,аһаҕас сир. Сүрүнэ, СПТУ гарааһыгар тиийиэхтээхпит,гарааж тас өттүгэр лаампа умайар, онтон А.Сардаанв дьиэтэ бу турар. Агрономнар тас уоттарын холбооботох буоллахтарына аны биир Сардаагабын дьиэтигэр атаарабын.
Икки илиим улук буолан хаалар, биир кэм токуччу туттан уонна суолу быһа икки кыыс хам кууһан кэлбит буолан.

“Хоту” дэриэбинэ оҕолоро подвал ойуурун эмиэ “моһол” бөҕөнү туораан дьиэлэрин булаллар.

Кыһыары күһүн “Соппуоһунньук” ойоҕун өлөрөн кэбистэ,сарсыарда-киэһэ ол кэпсэтиитэ буолла,дэриэбинэ. Өр буолбата,аны “Соппуоһунньук” ойоҕун түүппүлэтэ хараҥаҕа дьону сырса сылдьан тэбиэлиир үһү- диэн сурах-садьык оскуола оҕотун толорон кэбистэ. Продленнай группа кэнниттэн “хоту” дэриэбинэ оҕолорун подвал ойууругар сырса сылдьан “тэбиэлиир” эбит. Били ханна эрэ ыраах буолар случайбыт аны,бэйэбитигэр дэриэбинэҕэ баар буолла. Хараҥаҕа дьиэлиир моһуок буолла.
“Оҕолор куттаналлар” - диэн төрөппүттэр педсовекка туруорсан продленнай группа тохтоото.

Күнүс сырдыкка дьиэлиир буоллубут. Дьэ,били “түүппүлэни” көрө диэн, Алик,Уйбаачык буолан бардыбыт. Онтубут гарааж боруотатын кытыытыгар , кып-кыһыл, харыс саҕа хобулуктаах түүппүлэлэр оскуоманан хам сааллан тураллар эбит. Гарааж таһыгар хайа эрэ дьон тураллар: - Билигин түһэн сырсыа,дьиэлии охсуҥ,- дэһэллэр.
Биһиги кырдьыктанан, тиэтэйэ-саарайа дьиэбит диэки барабыт.
Продленнай группа тохтоон, Сардааналаах Саргы миэхэ киирэн уруок ааҕынар буоллубут. Кинилэр дьонноро үлэлэригэр,онон мин ийэм хонтуруоллуохтаах, уруок ааҕарбытын. Ийэм сэрии саҕана оҕо сааһа буолан,оскуолаҕа үөрэммэтэх. Биһиги ону туһанан - Города,реки… оонньуубут. Сотору-сотору мөккүһэбит: холобур, Профессия - диэҥҥэ “директор диэни. Былатыанап Баанньыккаттан *директор- профессия буолбакка, дуоһунас буолар- диэн билбит буолан,ону аахсабын. Эбэтэр,ханнык эрэ бууеубаҕа наадалаах тылгын булбакка, сымыйанан айан суруйаҕын, ону - *оннук баар-суох диэн мөккүһэбит. Ийэм хоско киирэн:- Туох ааттаах мөккүһэҕит?- диир, - Уруок ааҕабыт- дэһэбит,суруна олорор тэтэрээппитин көрдөрөбүт. Тахсан чэйин бэлэмниир,сотору остуолга ыҥыртыыр. Ол гынан иккитэ-хаста чэйдээһиннээх, “уруок ааҕабыт”. Сарсыныгар уруокпутугар мэлийэн тахсабыт

Бука,биһиги эрэ буолбакка,син элбэх оҕо уруок аахпатах буолурхтаах,продленнай группа тохтоон. Сотору били *случайбыт умнуллан,уонна уруок ааҕыллыбата элбээн буолуо, продленнай группабыт эмиэ үлэлээн барда.

15.10.18с.
Арсен Михайлов
Маар с.Ньурба

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
15.10.2024 16:22

БАГДАРЫЫН СҮЛБЭ
С.К. СТАРОСТИН ТУҺУНАН ӨССӨ ТӨГҮЛ

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️

С.К.Старостин- Одьоо туһунан “Олох долгунугар” суруйарбар,кини Швециятааҕы олоҕун,тыл үөрэхтээҕэ Б.Коллиндерга туох көмөлөөх буолбутуе билэр сорук турар диэбитис. Бүгүн ол туһунан суруйар кыах баар буолла. Кыраны да буоллар.
Финляндия учуонайа Һарри Һален сыаналаах бэлэҕин туһунае үөһэ,быһа тардан,суруйбутум. Билигин ол бэлэхтэн, С.К. Старостиҥҥа сыһыаннааҕын,сиһилии соҕус кэпсиим…
1993 сыл сайына. Швецияҕа, Стокгольмтан 500 км тэйиччи сытар, 2-3тыһыынча киһилээх Тибру диэн куоракка олорор, 48 саастаах ойуур хаһаайыстыбатын инженерэ Нигемар Торелл Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлбитэ уонна сүдү диэн сыаналаах кэһиилээх буолбута. Ыалдьыппыт С.К.Старостин саҥалаах магнитофое лиэнтэтин аҕалбыт…
… Лиэнтэни ,үрдүгэр түһэн,иһиттибит уонна сурукка таһаардыбыт.
Билигин С.К.Старостин саҥатын ааҕыҥ.
" Мин Саха һиригэр төрүөбүт киһибин. Саха һириттэн манна,бу дойдуга, кэлбитим. Биһиги дойдуга сахалыы бурдук ыһаммыт, анаҕы үөскэтэммит,оту охсоммут,бултаан аһааммыт, сири-уоту тэлгэтэммит,сахалыы үөскээбии Саха һирэ дьоннорбут. Саха дойдуга, биһи дойдуга,олохон үөрэҕэ һуох буолар. Саха,ханнык даҕаны,тууохтаах, кыра-кыра олохтоох дойду. Саха былыргы бэйэтигэн,туох даҕаны,бултаан аһыыр икки сири оҥорон,бурдугу ыһан,анаҕы иитэн, сылгы сүөһүнү иитэн,кымыһы туохтаан,сайын оттоон,кыһын мастаан,сайын оту охсон,оту мунньан баран,кыһын сүөһүтүн иитэн, анаҕыттан үүт таххан,бурдугун атыылаан,бурдугун сынньан,бурдугу тардан,лэппиэскэлээн,лэппиэскэни сиибит. Онно арыы,бурдугунан аһааммыт,былыр мтн үөскээн һыддьыбытым.
Таатта диэн үрэххэ төрүөбүтүм. Чакыр диэн нэһилиэк этим. Аҕам аата Көстөкүүн,мэйэм аатым Сэмэн.
Саха былыргыта сүрэҕэ һуох этэ,билигин кириэстэммитэ. Саха һиригэн үөскээбитим. Мин Саха һириттэн барбытым. Бу дойдуга кэлбитим сүүрбэ ордуга үс сыл буолла. Һүүрбэ үс сыл мин тугу даҕаны билбэккэ һылльыбытым. Билигин дойдубуттан туох да тылы истибэппин. Төрүөбүт дойдубан аймахтаах этим,хааннаах этим. Саха һиригэн үөскээбитим. Мэйэм сааһым биэһуон ордуга биир сыл буолла. Кырдьаҕас киһибин,билигин ыарытыган буолан сылдьабын. Сахалыы тылы барытын то,конечно төрүөбүт тылбын,билэбин. Син. Онон билигин, Саха һиригэн тиийдэхпинэ даҕаны, эргийэн тиийбитим иһин,саха тылын, төрүөбүт тылбын,умнуом суоҕа буоллаҕа буолуо дии саныыбын. Но? Наа. Биһиги дойдуга саха бултаан аһыыр. Булт аата буолар - эһэ. Тыаҕа,хара тыаҕа,эһэ баар. Эһэни биһи дойдуга урук саанан бултаабат этэ. Билигин үҥүү диэн уһуктаах тимиринэн,дьөлө кэйэн,өлөрөр этибит. Куобаҕы,тыаҕа айа тардаммыт,-айанан. Түүн кэлэн,айа эстэн,куобах онно өлөр этэ. Туһахтаан куобаҕы сиир этибит. Улар,тыа уларын, улар диэн кыылы дуо, туһах баайаммыт,саха туһаҕынан бултуур этэ . Былыр үөрэҕэ һуохха,саа диэн,ханнык даҕаны сааны билбэт этэ. Ол биһиэхэ бу кэннэки саа үөскээн саанае бултаан аһыыбыт. Булчук киһи хайа да күн булдунан үчүгэйдик олорор сирэ. Саха һирэ олохон бултаах дойду. Саха һирэ улохон бульчук киһи улохон баай буолар. Улохон сүөһүнү аһан, сүөһүнү туохтаан,иитэн, онон киһи буолар. Киһи онон хайтах даҕаны,саха барыта,хара тыаҕа таххан,көҥүл бултаан,аһыыр буолар. Булт биһи дойдуга ,тыаҕа,маһы-оту куурдар,олохон элбэх бут баар сирэ. Онно сохсо охсон,сахалыы сохсону. Маһынан сохсо охсор баҕадьы. Ол сохсобутунан кэлэн,кыһын туруораммыт,ону кэрийэн,күнүс кэрийэммит,киэһэ аҕалан,дьиэбитигэноҕоҕо-дьахтарга күөстэтэммит, буһаран сиэммиь-аһааммыт,тотон. Тириитин таҥас кынан таҥнабыт. Этин сиэн-аһаан,мин буһаран иһэммит, киһи буолабыт.

Саха сүрдээх тымныы дойду. Ол тымныы дойдуга истээх таҥас кыһын таҥныллар. Сайын олохон куйаас дойду. О куйаас дойдуга сайын халтаҥ таҥаһынан сылдьаллар. Ол дойдуга олохон кумаардаах буолар. Ол кумаар сиириттэн кыра һоҕус таҥастаах буоллаххына һатанар,сыгынньах буоллаххына,этиҥ бааһыран,ыалдьаҕын.
Ол быһыытыттан биһиги,былыргы саха киһи,суолга көрсөн баран:- Хайтах олороҕун?- диэн.-Кэпсээниҥ?Тугу биллиҥ? Хайтах-туох олороҕут, эһи ыаллар?- диэн.- Тугу истэҕит,көрөҕүт?
Саха тыла барыта оннук буолар.
Суолга көссөн баран,киһини көссөн баран,кэпсэппэккэ эрэ ааспат баҕадьы. Ол быһыытынан мин кэпсэтэбмн. Сахалыы бастаан:- Дорообо!- дииллэр. Ол “Дорообо” диэн баран,дьэ:- Кэпсээ,кэпсээниҥ. Тугу биллиҥ? Хайа диэкиттэн иһэр киһигиний? Хайа нэһилиэк буолаҕын? Хайа,ким ааттааххыный?Аатыҥ-суолуҥ кимий? Кимтэн төрүөбүккүнүй? Аҕаҥ аата кимий? Эһэҥ аата кимий? Ийэҥ аата кимий? Оҕоҥ? Төһө оҕолоох буолаҕын? Оҕолоруҥ хайтах-туох олороллоруй? Төһө улаатан эрэллэр оҕолоруҥ? Оҕолоруҥ булчут дьон буолтара дуу,ньиэ булчута һуох дьоннор дуу?Улаатаннар,үчүгэйдик,билигин олоҕоннук байан эрэр дииллэр дии эйигин. Эн улохон баай киһи буолбут курдук истэбин- диэн.

Саха тыла барыта оннук буолар,сахалыы кэпсээн. Саха барыта биһи дойдуга олохон ыраахтан кэлбит киһини үчүгэйдик хоноһо,ыалдьык кынан, үчүгэйдик тутан олорор,үчүгэйдик аһатар,түүн. Биһи дойдуга хаччы диэни билбэт дойдубуолар. Биһи дойдуга киһини үчүгэйдик маанылаан, күндүлээн,үчүгэйдик маанытык,күндүтүк туталлар.
Биһи дойдуга,хайа да күн,аньыыны-таҥараны,хайа да күн,санаан һыддьаллар.
Саха буолар үөскээбмт сирэ,саха, алаас сир диэн,алаас сиргэ үөскүүр. Кураанах дойду буолар. Биһиги дойдуга күөл сирдээхпит. Мин төрүөбүт сирим алаас сирэ. Таатта үрэҕин арҕаа баһыган Сыссыбыт Сайылык диэн сайылыктаах этим. Киэһэкий алаас диэн кыстык сирдээх этим. Биһи дойдуга үрэх сиргэ олорор дойду. Үрэхтээх дойду үчүгэй,тот,өҥ буолар.
Биһиэхэ,алаас сиргэ,кураанах, аддах түспэтэҕинэ,бурдуе,от үүммэтэҕинэ,биһи дойдуга сут диэн ааттыыллар. Биһи дойдуга аччык буолар. Оттон ардах,үөһэттэнардах,инчэҕэй сир буоллаҕына,үчүгэйдик сайын сир үүнэн,от-бурдук таҕыстаҕына,саха тот,өҥ диэн - от,уйгу-быйаҥ. Былыргы саха кырдьаҕастар этиилэригэр мин төрүөбүт сирбэн от диэн.

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️

Ити ньуучча ыһар, килиэбэр диэн оту ыһар. Биһи дойдуга килиэбэр диэн оту хаһан даҕаны ыспаппыт. Биһи дойдуга бэйэтэ алаас сиргэ,кыһын бүтэй тутаммыт,бүтэйдээг,сири,онно сиргэ бэйэтэ от үүнэр. Кини киһи турап уонна киһи саҕа гына туран,үүнэн тахсар. Ол таххан-таххан баран,сытар. Ону хотуурунан охсон. Былыр саха хотуур диэн оҕостор этэ. Ньуучча кэннэки оҕорбута. Былыр саха хотуура диэн иссэ сүгэнэн,өтүйэнэн таптайан, саха ууһа хотуур диэн көнө тимиринэн буруустаан,тааһынан буруустаммыт,ону от охсор этибит. Ол охсоммут,сүөһүбүтүн иитэн,кыһын мунньан,сүөһүнү иитэн,онон олохсуйар этибит биһиги. Кэннэки,ньуучча кэлэн, ити ньуучча үөрэх таҕаараннар,литиэпкэ диэн хотуур оҕорбуттара. Онон үчүгэйдик оту күүскэ охсоннор,бэт элбэъ сүөһүнү иитэннэр,саха онон олохсуйан үөскээбитэ. Былыргы биһиги,саха охсор эрдэҕинэ,саха хотуура уочан куһаҕан гына кыайан буруустаабат,киһи кыайан охсубат. Онон,сүөһүнү-аһы кыайан ииппэккэ,дьадьыҥы буолар. Үчүгэйдик,хотуурун үчүгэйдик оҕостон,туттар,сэбин барытын үчүгэйдик оҕостор киһи, оту-маһы кыайан мастаан,саха сүөһүнү-аһы ииттэҕинэ,оннук киһи баай,үчүгэй үлэһит киһинэн аатыран,үчүгэй олохтоох,мас балаҕан лиэн балаҕан оҥостор этэ.

Ол балаҕан диэн туруору маһынан туруору кэккэлэтэн,үөһээ өттүн буорунан ыһан,тулатын тугунан, анах сааҕынан,буорунан буккуйан,сыбаан,сыбах балаҕан диэн балаҕан оҕороллор. Кэннэки киһи барыта үөрэнэн,оту-маһы кыайар буоланнар,саха,ньуучча дьиэтин охсон,ампаар щьиэҕэ муосталааннар,ыраастык олорор. Түннүк таастааннар. Былыр таас диэни хаһан да билбэт этэ саха. Ол саха, билбэтин быһыытынан, чат түннүе диэн,маһы тымтыгынан тыыраннар,кэккэлэччи,чат түннүк диэн,түннүк оҕостор этэ. Ол оҕостон,сайын оннугунан уураннар,түннүктэнэр. Кыһын буоллаҕына- мууһунан. Мууһылан. Күөл чараас мууһу, түөт муннуктуу суоран,түннүккэ уураннар,саха оннук түннүктээх буолара.
Биһи дойдуга ктлиэп оһох диэни оҕорбот этэ. Көннөрү оһох диэн,буорунан симэн, саха оһоҕун таҕааран,бурдугу лэппиэскэлээн,үтэһэҕэ үөлэн,уот оттон маран,үөлэн сиир этэ. Биһи дойдуга көтөхпүт килиэп диэни хаһан даҕаны төрүөбүт дойдубан билбэт этим. Алаадьылаан,биһи дойдуга хомордоох оҕороннор,тимиринэн хомордоох оҕорон,арыы кутан баран,уокка саары гынаннар,аһаан-сиэн,онон иитиллэн үөскээбит саха этим мин.
Биһи дойдуга атыыһыт таваарынан атыыһыттыыр. Түүлээх таваар диэн барыта,арааһынай түүлээх: тииҥ тириитэ икки,саһыл тириитэ икки, эһэ тириитэ,кырынаас тириитэ. Биһи дойдуга соломо (солоҥдо. Амма,Таатта,Чурапчы дьонун түөлбэ тыллара)диэн туоса түүлээх тириитэ. Биһи дойдуга, Хоту Муустаах муораҕа, туундараҕа киирэннэр, атыыһыттар таваары илдьэннэр,кысса диэн үрүҥ саһылга атыылааннар,кыһыл саһылга атыылааннар,лиһи дойдуга онон хаччыланан,үөскээн сыддьаллар. Онон олохон атыыһыт биһи дойдуга олохоннук байар. Биһи дойдуга таваар һыаната олохон. Һыаналаах ассыынай таваар диэн ити ньуучча оҥорбута. Онон былыр биһи дойдуга, саха ньуучча таваары билбэт эрдэҕинэ,биһи дойдуга тириинэн,таба тириитин,сүөһү тириитинэн,таба тириитинэн,тайах тириитинэн сарыы диэн оҥороннор,онон сарыы таваары таваарга атастаһан,бары биһи дойдуга атыылыыр этилэр. Былыр, былыргы дойдуга. Былыргы биһи дойдуга атыылааннар чэйи,табааҕы. Биһи дойдуга таҥас таваарын бу кэннэки,ньуучча үөрэх таҕааран,онон атыыһыттааннар,олохоннук олохон баай атыыһыттар үөскээн һыддьыбыттара.

Биһи дойлуга тимир суол суох буолар. Биһи дойдуга,дьэ,ити аптамабыыл суола һуох. Ити барыта олохон ньуучча үөрэҕэ. Биһи дойдуга атынан, таба сүөһүнэн,сыарҕанан тардан,таваары онон төгүрүк сыллаан сыддьаллар суолга. Лиһи дойдуга оҕоһуктаах суол суох. Тыаны бэйэтю һолоон,тыаны ханан бэйэтэ толкуйдаан. Биһи дойдуга хампаас (компас) диэн кыылы билбэппит. Биһи дойдуга туох даҕаны чаһыы диэни билбэппит. Биһи барыта- күнүнэн, күн ханан эргийэр. Күнүс күнүнэн: күн оттото диэн, күнүскү анах диэн, сассыарда диэн. Халлаан һыддыытыттан күн кииритигэн аасты суолга айаннаан сылдьыбыта,һыддьар этэ. Аны билигин чаһыы диэн билэллэр,үөрэх таххан. Былыр үөрэххэ олохон чаһыыны билбэт этибит,күн ханан таххарын. Түүн, туундараҕа түүн айаннанар,күнүс айаннаммат. Күнүс кыһын хараҥа буолар,тымныы буолар. Түүн ый таххан,онон сырдатан,суолу. Суол диэн- күн,сулус ханан,ый ханан хамныырынан. Онон тосхоллоон айаннааммыт,хоту туундара диэн сиргэ һыддьаммыт,ити Дьааҥы үрэҕинэн, Өймөкөөн диэн үрэҕинэн ((сорох хоту улуустар дьонноро туттар түөлбэ тыллара - Өрүһү этэллэр). Түүлээх дойдута. Тоҥус барытын,түүлээҕи тоҥус бултаан, түүлээҕи,онон саха атыыһыттара олохоннук байан сылдьаллар этэ.

⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️

Хоту дойдуга ханнык даҕаны паабырыкы диэн,туох диэн билбэппит. Биһи дойдуга таваары хаһан даҕаны, бу Соҕоруу дойдуттан аҕалаллар диэн,олохоннук,күндүтүк көрөллөр.
Биһи дойдуга чокуур диэнинэн уоттанан,испиискэ диэни билбэт этэ. Билигин арыгы диэни,ас диэни,ньуучча аһа диэни - барытын Ньуучча һириттэн аҕаланнар ньууччалар. Ону саха атыыһыттара хоту дойдуга илдьэн атыылааннар,түүлээҕинэг тарҕатан,түүлээҕи хаччы оҥороннор,онон һыддьаннар атыыһыттыыр этилэр. Атастаһаннар. Былыр хаччы диэни,былыргы хаччыга. Хаччы олохон. Ким даҕаны хаччыны сиэбигэн уктубат этэ. Туой таваарынан атастаһаннар,огон һыддьаллар этэ.
Саха былыр олохон,суола һүрдээх кыһалҕалаах айаннаах суоллаах дойду. Биһи дойдуга олохон эрэйдээхтик үөскээбит сир этэ. Биһи дойдуга билигин үөскэтэллэр олохон сүөһүнү-аһв. Ол буола үөскээбитин иһин олохон эрэйи бэйэтэ саха барытын билэр. Сирин билэрин быһыытынан. Бу дойду киһитэ ол дойдуга һытаан һыддьыбат дойдута. Тымныыта бэт. Итии таҥаһынан сыддьыахтаах. Халтаҥ таҥаһынан хаһан да сыддьыбаккын. Ыраах дойду буолар. Барыта таһыддьа хонон мыддьаҕын. Дьиэ диэни айан һуолугар билбэкктн,төһө эмэ сүүһүнэн көстөөх дойдуга. Сүүһүнэн көс диэн тыһыынчанан көһүнэн айаннанар. Төгүрүк сыл айаннаан,эргийэн кэлэҕин. Саас баран бараҥҥын, күһүн эргийэн кэлэҕин. Булчут күһүн бултуу таххар. Ону тоһуйа саас,күн уота ылаарыытыган,суол, хаар-сиир кытаанах буолуутун саҕана,хоту дойдуга суол суох,тибии тибэн,хаары чиҥэтэн, о чиҥэппитин гэннэ бараҕын. Намыс (Уус Маайа дьоно көмүгү,халыҥ хаарв итинник ааттыыллар) түһэн,сүрдээх олохон намыска,үс,бүтүн үс-түөт хонугу мэлдьи айаннаабакка,суолга сытан,үтүйэн,сынньанан,көлөтүн һынньатан баран,хаар чиҥээбитин ҥынна айанныахтаах. Ол айаннаабытын ҥынна,өскө тымныы күн буоллаҕына,табаҥ ырдаҕына,суолга табаҕын сынньатан,өссө биир-икки-үс нэлиэлэҕэ сынньанан бараҕын. Ол барбытын ҥынна,табаҥ үчүгэц буоллаҕына,күүскэ айаннааҥҥын, ким урук баран, булчуту тоһуйан,ол түүлээх таваары түргэнник атыыластаҕына,дьэ,ол атыыһыт олохон баай киһи буолар. Ол кэннэки,куһаҕан көлөнөн һылдьан,суолу кыайан айаннаабат киһи,ол аата дьадьыҥы,хаччыны кыайан булбат,түүлээх чааһын. Түүлээҕи олохоннук өлөрөр сирдэрю,олрхон өлөрөр сир. Баас* (Орто,Үөһээ Халыма дьоно куобах,эһэ сохсотун итинник ааттыыллар. Нуучча тыла ‘пасть") диэни хоту дойдуга сайын охсоллор. Ол сайын охсон…".

Бүттүбүт. Лиэнтэбит кэпсээнэ ситинэн эмискэ,ортотуттан быстан хаалла.
С.К. Старостин холку баҕайытык,налыччы кэпсиир. Арай,ити аймаҕын, хаанын,алаастарын туһунан кэпсииригэр уйадыйар,куолаһа титирээн ылар. Ахтара,быһа эмтэрэ сылдьара көстөр курдук.

Бу лиэнтэ көстүүтэ-
биһи омук культурнай олоҕор биллэр-көстөр сонун. Кинини анал үөрэхтээхтэр араас өттүттэн сиһилии чинчийиэхтэрэ,туһаҕа таһаарыахтара. Кырдьа барбыт саха киһитэ үйэ ортотугар “тимир быыс” лип сабан,хатаан турбут кэмигэр,тас омукка уһуннук олорон,саҥаран хаалларбыт лиэнтэтэ диэн ити кэннэ өссө ханна эмит сиргэ баара да биллибэт.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
22.11.2024 01:24

    Черскайтан Татаев Алексей диэн, үйэтин тухары Аллараа Халымаҕа табаһыттаабыт оҕонньор, Москваҕа, Бэс Чагда санаторийга сынньана баран иһэрин көрсөн кэпсэттим. Кэпсэтии үксүн таба иитиитин, хоту дьонун олоҕун, булт, балык туһунан буолла.
Ол быыһыгар хардан эһэ туһунан урут истибэтэхпин иһиттим. 80-с сыллар бүтүүлэрин саҕана Баһылай диэн, орто саастаах Арҕахтаах бөһүөлэк олохтооҕо оттуу тахсыбыт. Бэйэ тигии палатка туруорунан оттоон киирэн барбыт. Күнүһүн утуйар, түүнүн оттуур эбит. Арай ол курдук күнүс палаткатыгар утуйа сытан тимир тыаһыттан уһуктан кэлбит. Хараҕын аһан көрбүтэ палаткатын иһигэр ортоһуор улахан эһэ киирэн солууртан буспут балыгы сии турар эбит. Баһылай куттанан хараҕын симэн хамсаабакка, сыппытын курдук сыппыт. Солууру салаан бүтэрэн баран, эһэ аны оччут өйүөтүн угар дьааһыгар кыра аһылык баарын сиэн киирэн барбыт. Килиэп, ол бу макарон, саахар өр барбатах, эһэ аҕыйахта хабырынан кэбиспит. Онтон киһиэхэ чугаһаабыт. Арааһа хамсаабакка сытар киһини бу баҕайы тыыппат быһылаах, ордон хаалар оҥоһуум, тыыннаах буолар табыллыым маннык буоллаҕа диэн Баһылай олох өлбүт курдук тыыммакка да сыппыт. Ол икки ардыгар адьырха кыыл сурдурхаччы тыыммытынан биир баппаҕайынан киһини иһиттэн баттаан көрбүт. Төһө да ыарахан баппаҕайга ыбылы баттата сыттар, Баһылай хамсаан да көрбөтөх. Хата тыҥыраҕын батары аспатах кыыл, баппаҕайын арааран хамсаабакка чочумча тура түспүт. Онтон куһаҕан сытынан аҥылыйан, хатыылаах баҕайы тылынан Баһылай сирэйин олоччу салаан ылбыт. Бу да сырыыга киһи сыппытын курдук сыпыт. Эмиэ кыратык тура түһэн баран, эһэ киһини аны илин атахтарынан өрө тардан, биир атаҕынан кууһан палаткаттан сүгэн таһаарбыт. Иннэ гынан саннытыгар быраҕыммыт да чугас сиэн баарыгар чэпчэки баҕайытык көтөҕөн киллэрэн ууга кыыраппыт. Хата чычаас сиргэ түбэһэн киһи сирэйэ уу үрдүгэр буолан биэрбит. Киһи сыппытын курдук хараҕын симэн, олох хамсаабакка сыппыт. Ол сытан иһиттэҕинэ, кыыл уу кытыытыгар тура түһэн баран палатка диэки барбыт. Сотору буолаат палаткаҕа тиийэн, эмиэ иһити хомуоһу тыаһаппытын истэн Баһылай аргыый аҕай сыыллан сиэни туораан тыаҕа киирбит уонна кыра сыыр баарын дабайан талах быыһыгар саһан хаалбыт. Ол сытан көрдөҕүнэ эһэ төннөн кэлбит. Киһи суоҕун көрөөт тутатына ууга ойон киирэн Баһылай тахсан барбыт суолун булбут да эмиэ сыыры дабайан суоллаан киирэн барбыт. Оччону көрбүт киһи буута быстарынан үс килэмиэтирдээх сиргэ баар оччуттар диэки түһүнэн кэбиспит. Саҥа күнүскүлэрин аһаан бүтэн отторугар киирээри сылдьар дьон тыа быыһынан туох эрэ элэҥнээн кинилэр диэки сүүрэн иһэрин көрбүттэр. Кэлин дьон этэринэн сүүрэн иһэр киһи үстэ түөттэ ойоот, олох омуннаан эттэххэ икки миэтирэттэн тахса үрдүгүнэн көтөн тахса тахса барар үһү. Бу туох айылааҕа быһа сытыйан иһэрий диэн, дьон үмүөрүһэн одуулаһыы буолбут. Ол туран көрдөхтөрүнэ, сүүрэр көтөр икки ардынан кинилэр диэки чугаһаабыт киһи кэнниттэн саппай уопсан иһэр тыатааҕы көстөн кэлбит. Дьон уоттарын көбүтэн, ыһыы хаһыы бөҕө түһэрбит. Эһэ ону көрөн эргиллэ биэрбит да тыа быыһыгар киирэн сүтэн хаалбыт. Адьырха кыылга үс килэмиэтири быһа ситтэрбэтэх киһи, дьон аттыгар сүүрэн кэлбит да өйүн сүтэрэн умса баран түспүт. Киһилэрин бастаан илгиэлээн, сахсыйан көрбүттэр. Туһа тахсыбатах. Онтон күөлтэн уу баһан таһааран, биир солуур тымныы ууну өйө суох сытар киһи төбөтүгэр таҥнары тутан кэбиспиттэр. Эмиэ туһалаабатах. Кэбис, кыайыа суохпут диэн, ыаллыы сайылыкка баар биэлсэр дьахтары ыҥырбыттар. Биэлсэр суумкатын сүгэн кэлэн укол туруорбут, тугу эрэ сыттаппыт. Ол кэннэ эрэ киһилэрэ үрүҥүнэн көрөн хамсаан кэлбит. Тугу да өйдөөбөт курдук мээнэ мэҥириир эрэ эбит. Биэлсэр этиитинэн киһилэрин көтөҕөн үүтээҥҥэ киллэрэн ороҥҥо сытыарбыттар. Ол тухары мээҥирии мэҥирии өрө мөхсө сытар үһү. Бу сырыыга биэлсэр дьахтар суумкатыттан испиирдээх иһити ороон, тимир куруускаҕа аҥаарынан испиир, аҥаарынан уу кутан баран мэҥирии сытар киһи төбөтүн көтөхпүт да уоһун сэгэтэн толору иһитин иҥнэри анньан кэбиспит. Букатын биир толору курууска барбах эрэ убаабыт испиири ыйыстан кэбиспит киһи эмискэ чуумпура түспүт уонна устунан утуйан хаалбыт. Үүтээн иһигэр турар дьон һуу диэн өрө тыыммыт. Эр дьон ол эрээри таһырдьа тахсыбакка тэпсэҥнии турбуттар. Хайа бу туохха үмүөрүстүгүт, киһибит этэҥҥэ, таһырдьа тахсын диэн буолбут. Ол кэннэ дьэ чугас турар киһи - Ити эһэни көрөн мин наһаа да куттанным, сүрэҕим эппэҥниир ити эмкинэн миигин эмиэ эмтээн кулу диэбит да испирдээх иһити ыйбыт. Оччолорго арыгы мэлийэ сылдьар кэмэ эбит. Ол бу буолуман, тахсан барын диэн кытаанах саҥа иһиллибит. Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, тыа дьоно саҥата суох аан диэки суксурустахтара эбээт. Дьиктитэ диэн, өлөр өлүүттэн, түөт атахтаах кыылтан эт атаҕынан куоппут Баһылай, ол иннинэ да ол кэнниттэн да быһыйдар буолуохтааҕар орто сүүрүктэр ахсааннарыгар да киирбэтэх киһи эбит. Онон кэпсээн кырдьык буолаҕына, Арҕахтаах Баһылайа, табылыннаҕына тайаҕы сүүрэн ситэр Аар Тайха дьулаан кыылыыгар үс биэрэстэ тухары ситтэрбэтэх соҕотох киһи буолара саарбаҕа суох.

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
22.11.2024 01:30

Чэппиэрэ

    Ийэм Мария Егоровна Чукрова кэпсээнинэн, эhэм Егор Андреевич Чукров-Чэппиэрэ 1870 с. Дьааҥы Дулҕалааҕар сэниэ ыалга төрөөбүт. Оҕо сааhыгар ыарытыйар, босхоҥ эбит. Онтон сааhын ситэр дьылыгар ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалар уонна 3 сыл буолан баран, таҥас угар, ыллыыр хоппо тутуурдаах, килиэп, саахар, ырбаахы таҥаhа, cолко былаат, иhит испиир кэһиилээх тиийэн кэлэн соһутар.
    Аны туран: “Манастыыбаттан үһүө буолан уhуйуллан кэллибит. Биир киhим бүлүүскэйдэргэ, иккис аргыhым эркээйилэргэ бардылар. Мин эмчит идэтин баhылаабытым иhин, хаппаҕын астахха, ыллыыр хоппо биэрдилэр уонна “босхоҥ” ыарыыбын эмтээн үтүөртүлэр”, – диэн дьиибэ кэпсээннээх буолар. Онтон ыла кини Эмчит Дьөгүөссэ диэн ааттанан эмтээбитинэн барбыт.
    Кэлин улам ыыра кэҥээн, Дулҕалаахтан быhа Бытантай үрэх (Дьааҥы салаата) баhыгар түhэн, салгыы Түгэhиир Омолойугар таба ииттэн, бултаан-балыктаан олорор көс дьонун эмтээн, устунан Сайдыынан Дьааҥыга төннөр буолбут. Дьааҥылар аатырбыт ойууннара Уйгуурдааны кытта ыкса доҕордуу эбит. Айаннаан иhэн дьону көрүстэҕинэ, сынньана таарыйа, тоҕоноҕор-санныгар суору, турааҕы, кукаакыны түhэрэн, олордон аhатар эбит. Эмтиир ньымата-албаhа арааhа да элбэх (аныгылыы эттэххэ): гипноз, психотерапия, иглотерапия, биоэнергетическай массаас. Итини сэргэ хаанныыр, отоһуттуур, арчылыыр-ыраастыыр, өтө көрөр, арыт кыырар-кутурар да эбит.
    Ол курдук, биирдэ Аллараа Бытантай Кустууругар 5-6 эрэ балаҕан баар эрдэҕинэ, чарапчыланан көрө-көрө: “Оо, элбэх да дьиэ турар, Кустуур сайдар-улаатар кэскиллээх эбит”, – диэбит. Ол иhин буолуо, Дьааҥыттан көhөн кэлэн Кустууртан 7 биэрэстэлээх Дьаарбас диэн сиргэ олохсуйбут. Бу саҕана ойоҕо суоҕа. Ыйыттахтарына: “Манастыыба көҥүллээбэт, эмтиир кэмим бүттэҕинэ, сирдээҕи аналбын толоруом”, – диэн тыллаах эбит. Ол курдук 50-нун ааhыыта Дьааҥы Табалааҕыттан Старостина Балбаараны сүгүннэрэн аҕалбыт. Өтөр оҕоломмуттар, бастакы оҕолорун Сэмэн диэн сүрэхтээбиттэр, онтон 1929 с. биһиги ийэбит – Мария төрөөбүт.
    Ийэм 9-тааҕар 1938 с. НКВДлар аҕатын Дьөгүөссэни дьон үҥсүүтүнэн кэлэн “кулаактаан” уонна “судаарыстыба туhатыгар” диэн, таҥас угар муусукалаах хоппотун кытары бэйэтин илдьэ барбыттар. Онтон ураты баайа да суох эбит. Ол эрээри өтөр эмтиирин бобон баран ыыппыттар. Кэлин ийэм Кэбээйи Сэбээн Күөлүгэр үлэлии сылдьан хоппо сельсовекка турарын көрбүт. Ону аҕам, оччолорго сельсовет бэрэссэдээтэлэ, тугу да саҥарбатах. Арай: “Дьарыктаахпын кимиэхэ да кэпсээбэт буол, былаас өйдөөбөт, сойуолаhыа, хаайыыга ыыппатахтарына, олоххун алдьатыахтара”, – диэбит.
    Ол эрээри ийэм Бытантай Алыытыгар оскуоланы бүтэрэр сылыгар хомсомуолга ылыы мунньаҕа буолбутугар, биир уол туран: “Бу кыыс аҕата – ойуун!” – диэбит. Ону оччолорго эдэркээн учуутал, кэнники биллэр суруйааччы Моисей Ефимов көмүскэhэ сатаабытын үрдүнэн, ылбатахтар. Онтон ыла ийэм аҕатын туhунан кимиэхэ да кэпсээбэт, оттон араспаанньатын “Чупрова” диэн суруйтарар буолбут. Ону ийэм өлөрө чугаһыгар миэхэ быктарбыта уонна: “Дьөгүөссэни Кытай манастыырыттан кэлбит дьон бэйэлэрин үөрэхтэрин тарҕатаары илдьэ барбыттара буолуо. Ол иhин “Манастыыбаттан кэллим” диир эбит. Оттон муусукалаах хоппото Кытайга оҥоhуллубут буолуон сөп. Оччолорго кытайдар, кэриэйдэр бааллар этэ”, – диэн эппитэ.
    Дьөгүөссэ дьону эмтээбит 2 түгэнин кэпсиим.
    Биирдэ Чэппиэрэ Сайдыынан Бытантайга түhэн иһэн киэhэриитэ Сэлээбиргэ Часкыырдар диэн ыал балаҕаннарыгар тиийбитэ, дьиэлээхтэр аҕалара төбөтүнэн моhуогурбут эбит. Көрдөhүүлэрин быhа гыммакка, оҕонньору көрбүт-истибит уонна: “Олус айманымаҥ, аҕаҕыт сылайан атыннык толкуйдуур буолбут, көмөлөhөн көрүөм”, – диэбит.
    Сарсыныгар туран, Дьөгүөссэ үрэх үрдүнээҕи ырааhыйаҕа туспа ураhа оҕотун туруортаран, киһитин онно илдьэ барбыт. Арай дьиэлээхтэр көрдөхтөрүнэ, дьоно ат буолан кистэhэллэр, ыт буолан үрсэллэр, араастаан оонньууллар. Тэбис-тэҥҥэ кэпсэтэн, күлэ-үөрэ отууга чаанньык оргутан чэйдээн, эт үтэн сиэн сылдьыбыттар. Ол быыhыгар Дьөгүөссэ киһитин төбөтүн имэрийэр, эмтээх от утаҕын иhэрдэр. Ити кэннэ 2-3 күнүнэн аҕалара оҕонньор үтүөрбүт, дьонун кытта тэҥҥэ кэпсэтэр буолбут. Бараары туран Чэппиэрэ: “Оҕонньору кыыhырдыбакка тэҥҥэ кэпсэтэн, эйэ дэмнээхтик күлэ-үөрэ олоруҥ”, – диэн алҕаабыт.
    Иккис түгэн. Күhүн сир тоҥуон иннинэ Чэппиэрэ Бытантай өрүhү өксөйөн иһэн, хараҥарыыта, биир ыал балаҕаныгар киирбитэ, ыаллар оҕолоро ыалдьан кэри-куру олороллор эбит. Ону көрөн Чэппиэрэ дьиэ эргиннээҕини кэпсэтэн баран, оҕону көрбүт-истибит, сарсыныгар сарсыарда убаһа өлөрөллөрүгэр эппит. Сарсыарда эрдэ туран убаhаны өлөрбүттэрин кэннэ Дьөгүөссэ оҕоҕо убаhа хааныттан иhэрпит, быарыттан сиэппит, алтан тимиринэн ыарыытын обортороору түөhүгэр уурбут, ньиэрбэтэ баар сирдэринэн иннэлэри анньыталаабыт. Ол кэннэ оҕону таҥыннаран, таhырдьа таhааран салгын сиэппит, от уматан балаҕан иhин ыраастаабыт. Онтон киллэрэн сытыаран баран эмтээх от утаҕын иhэрдэр, оҕо уоскуйбутун кэннэ имэрийэ-имэрийэ кутуран, дүҥүрүн охсон кыырбыт. Тоҥ күөс быстыҥа кыыран баран оҕо утуйбутугар: «Оҕо абааhыта буулаабыт. Ону үтэйдим. Бу сиртэн уhаабакка Кустуурга көhүҥ. Көстөххүтүнэ, ыраатыаххытыгар диэри эргиллэн көрбөккө бараарыҥ. Абааһы сайыһан барсыа. Санааҕытын түhэримэҥ, үтүөрүө, уhун үйэлэниэ, сиэннэрин оҕолуо”, – диэбит.
Онтон ыла бу сир “Эмтээх” диэн ааттаммыт. Ол эмтээбит оҕото Кустуур бөһүөлэк уhун үйэлээхтэриттэн биирдэстэрэ, “Үйэ-саас” бэлиэ хаhаайката Өрүүскэ кырдьан олорон Эмчит Дьөгүөссэ хайдах эмтээбитин кэпсээбитэ.
    Үрүҥ ойуун, эмчит Дьөгүөссэ-Чэппиэрэ “манна халлаан эниэргийэтэ мустар, Орто дойдуну уонна Ырайы сибээстиир бастакы үктэл баар” диэн Кустуурга Мандыйа тааһын тумуһугар манастыыба (манастыыр), сахалыыта Арчы дьиэтин арыйар баҕа санаалааҕа.

Суруйда Эмчит Дьөгүөссэ-Чэппиэрэ сиэнэ Анатолий ЗАХАРОВ-Иэлик

Добавить комментарий