МУММУТ ОҔО
Главная / Кэпсээннэр / МУММУТ ОҔО
Уһук Уйбаан
2 чааһа (АЙАН)
Дахха сарсыарда эрдэ туран бэҕэһээ өттүккэ хаайталаабыт аттарын тутан дьиэтин таһыгар аҕалан ыҥыырдаталаата. Илдьиэхтээх кэһиилээх сымаларын, аттарга ыйааһын тэҥнээн, Сэкэ мииниэхтээх атыгар ыырта. Бэҕэһээ күрүө тутуон иннинэ ходуһаҕа босхо ыыталаабыт аттарын тутаттаабыта. Аттара чычаастар. Быаны моонньуларыгар иилэ бырахта эрэ хамсаабакка туран биэрэллэр. Төһө да миҥэ ат өр ыытылыннаҕына маҥнай миинэргэ этиргээн ходьоһуйааччы. Сэкэ миинэн барыахтаах кырдьаҕас атын ыҥыыры биллэрэ таарыйа Үкэригэр миинэн барбыта. Бэйэтэ сылгыһыттыырыгар миинэр уһуу соҕус эрээри, аллаах, атаҕынан чэпчэки эдэр атынан барар. Дахха хайдах да айаас аттан бырахтарбат, ыҥыырга бигэтик олорор киһи. Бэйэтигэр эрэнэн, атын эрдэ ыҥыырдаан миинэн бодьуустаһа сатаабатаҕа. Сэкэ эрдэ уһуктан, туран, суунан-тараанан бэлэм олорор. Дахха киирэн: — Чэ, доҕор, бардыбыт, туоххун да умнубатыҥ ини? — бултуу барарыгар дьиэттэн тахсыан иннинэ туохпун да умнубатым дуо диэн иһигэр ыйытынан, тохтоон олоро түһэн баран идэтинэн ыйытта. — Умнар курдук үөрэнэр кумааҕыларыттан элбэҕи илдьэ кэлбэтэх этэ. Биир кинигэтин кытта тэтэрээтин уларыттар таҥаһын быыһыгар укпутум, — уолун оннугар Балбаара эппиэттиир. Чочумча тугу эрэ толкуйдуу турбахтаан баран, салҕыы: — Тоойуом, туттарыыгын туттаран, үчүгэйдик үөрэн, — Балбаара уолун кууһан туран, сүүһүттэн сыллаан ылла. Балбаара саҥалаах бэйэтэ элбэҕи эппэтэ. Ийэ сүрэҕэ оҕотугар үтүөнү баҕарара тылынан ситэн этиллибэт муҥура суох элбэх, ыраас санаа буоллаҕа. Ону барытын эппэккин, кутуҥ-сүрүҥ сыралынан тиэрдэҕин. Дьиэттэн үһүөн таҕыстылар. Дахха сулбу атын миинэн, эргиллэн көрбөккө, Үрүйэлээҕинэн быһалыыр суол диэки атын салайа тутта. Балбаара уолун кууһан кэтэҕиттэн имэрийэр. Сэкэ ийэтигэр сыстан сылаас, дууһатын сылаанньытар, туох да солбуйбат ийэ дьикти сытыттан таалан турда. Сэкэ аҕатыттан хаалымаары атыгар сүүрдэ. Ата миинээтин кытта, соруллуута суох сэкэйэн Дахха атын ситтэ. Бахсыр бултуу барардыы, үөрэ-көтө, хайыһан көрө-көрө инники сэксэрийдэ. Балбаара далын ааныттан дьоно баралларын, мастар быыстарыгар киирэн сүтүөхтэригэр диэри, көрөн турда. Кини сүрэҕэ баастаах. Түөрт сыл анараа өттүгэр икки уолун аҕаларын кытта Күрүөлээхтэн үс атынан сэриигэ баралларын сайыһа, сүрэҕэ түлүгүрүү мөхсө, Сэкэтиниин атаара хаалбыттаах. Ол, Дэниистээх Байбалын түһэтигэр көтөҕөөт, көрөн-харайан улаатыннарбыт чыычаахтарын, өлүү-сүтүү, сэймэктэнии аргыстаах адьарай ааҥнаабыт арҕаа билбэт дойдутугар атааран, кэннилэриттэн бүтүгэс көрөн хаалыыта этэ. Арай атаара турар тиэргэнэ атын. Уолаттара бөһүөлэктэн барбыттара. Бүгүн кыратын, Сэкэтин атаарда. Билиигэ-көрүүгэ, үтүөҕэ тардыһыннара ыыттаҕа эрээри, ийэҕэ оҕо барыыта мэлдьи дууһатын кураанахсытар, сайыһыннарар. Даххалаах туора турар Күрүөлээҕинэн эргийбэккэ, омоон суолунан быһа Харыйалаахтарыгар бардылар. Барар суолларынан Харыйалаахха дылы сэттэ көс. Бөһүөлэгинэн бардахха түөрт көһү ночоотураҕын. Күнүскү ыам саҕана, аттарын уоскута, хабыалата таарыйа киэҥ айаны туораан, ойуур саҕатыгар чэйдээтилэр. Дахха бэйэтэ сылгылары сырсыыга, булт соноругар күннүктээн аһаабакка сылдьааччы. Оҕотун кытта сылдьан кыра киһи аһаабакка айаны тулуйуо суоҕа дии саныыр уонна сиргэ сылдьан отууланан чэйдиири көрдөрөн үөрэтэрин быһыыта. Күн түөттүүр ыам диэки тиийэн эрэр кэмэ. От үрэххэ түһэр үрүйэни кыйа бэс быыстаах тиит ойуурунан сиһи дабайан иһэллэр. Уһун ардах кэнниттэн от-мас суунан чэбдигирбит. Аттаах киһиэхэ тыаллааҕа биллибэт эрээри, мастар сипсиһэ суугунууллар. Таайдахха, иннэ-кэннэ биллибэт тайҕа үрдүнэн салгын сүүрээнэ көрүлүү оонньуур быһыылаах. Тула нус бааччы, киһины абылыыр кэрэ. Сэкэ ат биир кэм тэтимнээх хардыытыгар бигэнэн нуктуу иһэр. Эмискэ уҥа диэки үрүйэ ычыныгын быыһыгар барчаланар тыас иһилиннэ. Бахсыр мух-мах үрэн ылла. Мастар быыстарынан тайах суолу батыһа күлүгүлдьүйэн иһэн туорууругар аҕата туоһапкатынан ытан «тас» гыннарда. Саа эстэр тыаһа, кыра да буоллар, биир кэлим суугунуур чуумпуну соһутта. Сэкэ аҕата түргэнин сөҕө санаата. Дахха таһыттан көрдөххө мөдөөн курдук эрээри, кэмигэр түргэн туттуулаах. Тайаҕы көрө охсон, атыттан түһэн, сүгэ сылдьар саатын устан, сомуогун туруоран, сүүрэн иһэр тайах уонча хаамыылаах ырааһыйаны быһа охсон ааһарыгар тыын сирин таба ытааһын оҕо оонньуута буолбатах. Дахха уолугар хайыһан: — Чэ, доҕор, аккыттан түс. Аттарбытын баайталаан баран, суоллаһан көрүөхпүт. Төһө ыраах баран охтубута буолла? — Охтуохтааҕын хантан биллиҥ? — Сэкэ аҕатыттан ыйытар. — Ханнык баҕарар сүүрэн иһэр булт өрөһөтүн тэһэ ыттардаҕына ырааппат, биэрэстэ аҥаарын кыайбат сири баран охтор, — диэн быһаара-быһаара тайах барбыт хайысхатынан хааман истэ. Сэкэ кэнниттэн сэмдэй уопсан истэ. Үс сүүсчэ хаамыы бараат, тайахтара охто сытарын буллулар. Аттарыгар төннөн кэлэн Дахха: — Дьэ, доҕор, булпутун астаан бүтүөхпүтүгэр диэри киэһэрэр. Манна хонон барабыт. Маҥнай отууланар сири талыахха. Суол үөһээ өттүгэр туораан, сэдэх мастар быыстарыгар ырааһыйаҕа үрдүк модьу бэс аннын булла. — Бэс чэпчэки, сырдык ыраас тыыннаах мас. Анныгар утуйан турдахпытына куһаҕан буолуо суоҕа, — Дахха уолугар быһаарда. Аттарын сиэтэн аҕалан сыбыдахтаатылар. — Ыҥыыргын тиэрэ уур. Тэллийэ ат көлөһүнүттэн куурдун. Утуйарбытыгар тэлгэниэхпит. Сэкэ соруйтарыыта да суох аҕата тугу гынарын үтүктэ сылдьар. Дахха солбуһуннара туттар икки ыҥыырдаах, хас биирдии ыҥыырын төргүүтүгэр өтүүнү, ат адаҕатын, сүгэтин араарбакка баайа сылдьар үгэстээх. Сылгыһыт, булчут киһи киэҥ сирдэринэн тайаан сылдьарыгар үгүс үөйбэтэх түбэлтэлэригэр түбэһэрэ элбэх. Онно барытыгар бэлэм буолар курдук тэринэн сылдьар, чэй оргутунар иһитигэр тиийэ. Тайахтарын астыыллар. Сэкэ көрөн турбат, аҕатын кытта тэҥҥэ түсүһэн иһэр. Дахха дөрүн-дөрүн итини тут-быс диэн соруйар. Көмөлөһөрүн быыһыгар Сэкэ аҕатын туттара-хаптара нымсатын, барыта судургу ыксала суох, субуруччу оҥорорун астына көрөр. Биир түгэҥҥэ быһаҕын өрө тутан турдаҕына: — Доҕор, биилээҕи өрө тутуллубат. Саха үгэһинэн, өһү биллэрии, эбэтэр суоһурҕаныы өйдөбүллэнэр. Ол курдук, биилээҕи киһиэхэ тутар өттүнэн бэриллэр, — тохтоло суох үлэлии сылдьан хайдах көрбүтэ буолла, өйдөтөн эттэ. Дахха тайаҕын иһин хайытан иһинээҕитин хостоон баран, өрөһөтүн туоһапка буулдьата тэһэ көппүт бааһын көрдөрөр: — Бу тыҥатын, сүрэҕин хара иһиттэн араарар өрөһөтө тэһэ ытыллыбыт. Булду уун-утары туран ытыллыбат. Иннин эбэтэр кэннин диэкиттэн олдьу туран, үөс тардарын табар курдук ытыллар. Ыраас иһин салгына таҕыстаҕына, үөс тардардаах кыыл барыта охтор, — уолугар быһааран кэпсиир. Тайахтарын иккиэн көмөлөөн сүлэн, холлоон-бууттаан араартаан тоҥ күөс быстыҥынан үмүрүттүлэр. Дахха уола кини курдук, сылгыһыттаан, бултаан олоҕун олороругар бэлэмнээн булт кистэлэҥнэрин өйдөтө сатаабат. Эр киһи кимиттэн тутулуга суох, булчут, саатар булка үөрүйэх буолуохтаах диэн толкуйунан сирдэтэр. Сэкэтэ үөрэхтээх, аармыйаҕа курдук, дьону салайар киһи буола улаатыан баҕарар. — Биирдэ агдатыгар таптарбыт тайах көҥдөйдөттөҕүнэ барар диэбитиҥ дии, — уола ыйыппытыгар, хаһан эрэ биирдэ этэн аһарбытын өйдүү сылдьарын сөхтө. — Оннук буолар. Тайах агдаҕа табыллан тыын сирин таарыйтарбатаҕына охтубат, хойомууннанан барар. Буулдьа тэспит суолун хаан бүөлүү анньан агдатын салгына тахсыбат. — Оттон өрөһөтүн бааһын хаан тоҕо бүөлүү аспатый? — Сэкэ токкоолоһор. — Сүүрэн иһэр кыыл өрөһөтө күөрт курдук күүскэ хамсыы иһэр буолан, хаан өһөҕүрэн бааһы бүөлээбэт, — Дахха дьиҥинэн кэпсиирэ сөбүн-кырдьыгын билбэт, бэйэтин өрөһөтө хамсыырынан сэрэйэн кэпсиир. Сыыһа буоллаҕына, кэлин бэйэтэ иҥэн-тоҥон үөрэтэн билиэ дии саныыр. — Чэ, доҕор, икки буутун илдьэ барыахпыт. Сотору туттулларга анаан биирин кыра гына эттиэххэ. Балаагыйаҕа эбии саҥа эттэн кэһиилэниэхпит. Баар мэһэйдиэ суоҕа. Онно ханна эттээн аччарыһа сылдьыахпытый. Эттэммэтэҕин сөрүүн түһүөр диэри булууһугар угуохпут. Миэстэтинэн сылдьар эт кыраламмыттааҕар тулуһааччы. — Балаагыйа диэн кимий? — Сэкэ ыйытан аҕатын соһутта. — Хайа, хайдах эдьиийиҥ аатын баччааҥҥа диэри билбэккин, доҕор, — Дахха сөҕөр. — Оттон, мэлдьи балтыҥ да, эдьиийиҥ диигит буолбат дуо, — Сэкэ аҕатыгар утары баайыста. — Эдьиийиҥ толору аата Тиихэнэбэ Балаагыйа Сэмиэнэбинэ диэн, кыыс сылдьан Сэмиэнэбэ этэ, өйдөөн кэбис. Мэлдьи киһи толору аатын өйдүүр буол. Холкуос бэрэссэдээтэлэ киһини хайдах Сэмээр Сэмэн диэн ыҥырыаххыный, Сэмэн Уйбаанабыс буоллаҕа. Биһиги сахалар нууччалыы ааттана иликпитинэ, аат бысыһар идэбитинэн билиҥҥэ диэри хос ааттаһа сылдьабыт. Миигин үгүс дьон Дахха дииллэр, Сэргэй Сэмиэнэбиспин билээччи аҕыйах ини. Мин онтон өһүргэммэппин, өбүгэлэрим үгэһинэн аатым буоллаҕа. Эйигин Сэкэ диэн таптаан ааттыыбыт. Сэмэн диэн эһэҥ аатын биэрбиппит. Эһэҥ сытыы-хотуу, күүстээх-уохтаах, Бодойбоҕо тиийэ сыарҕанан таһаҕас таһыытын бэдэрээтигэр сылдьыбыт, нэһилиэккэ Сэнэх Сэмэн диэн аатынан биллэр киһи этэ. Оттон, сэбиэт урукку суруксута Уйбаан, Холбо сирэй аатыттан өһүргэнэр, сирэйдээбэккэ Холбо диэтэххэ дьыалайдаабат, — этин эттии олорон айаҕа хам буолбат, уолугар быһаара, өйдөтө сылдьар үгэһинэн үөрэтэрдии кэпсиир. Дахха сэттэ кылаастан салҕыы үөрэммэккэ, аҕатын кытта булчутунан сылдьыбыта. Үгэс курдук Дахха ыраата бултуулларыгар ааҕар кинигэлэрдээх барааччы. Аҕата Сэнэх киэҥ сиринэн сылдьыбыт буолан, киһиэхэ билии-көрүү наадатын өйдүүрэ. Уола кинигэтин ааҕан бүтэрдэҕинэ: «Хайа, тугу суруйбуттар?» — диэн токкоолоһор идэлээҕэ. Дахха аҕатыгар кинигэ сүрүнүн кэпсээн биэрэргэ үөрэнэн, уутугар-хаарыгар киирдэҕинэ киһи тохтоппот кэпсээнньитэ. — Чэ, доҕор, үрүйэ диэкиттэн муохтаан кэл эрэ. Эппитин суулуохпут. Аҕам: «Муохха сууламмыт ас эргэрэ охсубат, туруулаһар», — диирэ. Ол кырдьык. Үүт сойутар умуһахтарыгар муох тэлгээтэххэ, сайыҥҥы куйааска икки-үс күн аһыйбакка турааччы. — Төһө элбэҕи? — Сэкэ ыйытар. — Доҕоор, оттон бэйэҥ барыйан көрөн быһаар ээ, — аҕата төһө диэҕин ыарырҕаппыта дуу, толкуйдатара дуу, бу сырыыга чопчулаабата. — Чэ, сөп, — диэт, Сэкэ элэс гынан хаалла. Дахха Харыйалаахтан төннөн иһэн ылан ааһар курдук булдун этин тириитигэр суулаан, үрүйэ ытын сытыытыгар уураары бэлэмниир мучумааныгар сылдьан, уола кэлбитин өйдөөбөккө да хаалла. Дахха Сэкэ аҕалбыт муоҕун көрөн сөҕө санаата да, саҥарбата. Уола ыарҕа талаҕы быһан, муоҕун иҥиннэрэр лабаатын ордорон, уоннааҕытын сулуйан, үтэһэ оҥорон сүгэн кэлбит. Ханна көрбүтэ буолла муоҕу үтэһэлээн хомуйалларын, эбэтэр бэйэтэ толкуйдаабыта дуу? Хайдаҕын да иһин, үлэҕэ сыстаҕас киһи тахсыыһы диир санааттан Дахха дуоһуйар. Кыылларын этин дьаһайан баран, хонук отууларын оҥостор түбүккэ түстүлэр. Дахха бэйэтэ эрэ буоллар улаханнык түбүгүрүө суох этэ. Сэксэ тэлгэтинэн баран, ыҥыырын сыттан, тэллийэтин тэлгэнэн, төргүүтүгэр мэлдьи сылдьар бириһиэнин саптан утуйуо этэ. Уолун кытта хонор буолан, үөрэтэ таарыйа отуу оҥосторго сананна. Хойуу лабаалаах бэрдьигэһи булан, Сэкэ аҕата ботугуруурун истэн тиийэн, дьиктиргээн аҕатын, хайдах буоллуҥ диэн ыйытардыы, өрө көрөн турда. Дахха уола саҥата суох ыйытардыы көрөрүттэн өйдөөн: — Дьэ, доҕор, айылҕаҕа туох барыта кэрэһиттээх, ону биһиги сахалар иччи диэн ааттыыбыт. Иччилэр киһи курдук хомойоллор, хоргуталлар, үөрэллэр, махтаналлар. Онон, сахалар мээнэ, туһаммат эрээри, кыылы-сүөлү, оту-маһы кырга-кыдыйа, алдьата-өһөрө сылдьыбаттар. Чахчы туһанаары, туттаары гыннахтарына Баай Байанайтан, эһэкээннэртэн, эбэтэр иччилэртэн тоҕо наадыйбыттарын этэн, көрдөһөн баран дьаһаналлар. Ону хаһан да умнубат буол, — Сэкэ аҕата кэнники тылларын кытаанахтык эппититтэн, булгуччу толоруохтааҕын өйдөөтө. Ол эрээри бүгүҥҥү ыксал туттуутугар аҕата саҥарар быыһа суоҕа: — Оттон ити тайаҕы ытаргар хаһан эһэкээнтэн көрдөспүккүнүй? — диэн аҕатыттан ыйытар. — Дьэ, доҕор, киһи оту-маһы туһанаары алдьатарыгар эрдэттэн толкуйдаан оҥорор, оттон булка мэлдьи быһымах түгэн. Булт тэрилин ылан, оҥостон бараргар Байанайтан көҥүл көрдүүгүн, бултуйдаххына Байанайга уонна булт эһэкээнигэр махтанаҕын. — Байанайтан көрдөһөҕүн, эһэкээҥҥэ махтанаҕын, ол хайдах? — Сэкэ ситэри өйдөөбөтөҕүн ыйытар. — Байанай диэн кыыл-сүөл, киһиттэн ураты тыынар тыыннаах барыларын кэрэһиттэрэ. Оттон хас биирдии харамай эһэкээннээх, анал кэрэһиттээх буолар. Киһи кэрэһитэ тус аанньала. Сахалар итэҕэлбит уонна көмүскэлбит Аар Айыы Тойон айааччы, — Дахха айылҕа суруллубатах сокуоннарын, былыргы өбүгэлэр сахтан саха илдьэ сылдьар өйдөбүллэрин бэйэтэ хайдах өйдүүрүнэн быһаарда. Сэкэ саҥата-иҥэтэ сүтэн, толкуйга түстэ. Аҕата эппитэ кырдьык буолуохтаах эрээри, Байанай, эһэкээннэр, иччилэр диэн, кинилэр хайдахтарын ойуулаан көрөн өйүгэр киллэрбэт. Аҕата этэр, ол аата бааллар. Киһи хараҕар көстүбэттэр эбит диэн түмүк оҥоһунна. — Доҕор, ити өбүгэлэрбититтэн илдьэ сылдьар айылҕаҕа итэҕэлбитин кэпсээтим. Аар Айыы Тойон, Байанай, эһэкээннэр, иччилэр диэн кэпсии, саҥара сылдьыбат буол. Билигин таҥараҕа итэҕэл суох диэн үөрэтэллэр. Сөбүлүү истибэттэр. Бэйэҥ тайҕаҕа сылдьан булгуччу тутуһуохтааххын. Эн сахаҕын, оттон саха — айылҕа оҕото. Онон айылҕа айбыт олоҕун сокуоннарын тутуһуохтааххын, — Дахха уолугар муос-таас этэн түмүктээтэ. Бэрдьигэстэрин лабаатын сулуйан сэктэ уурдулар, бэрдьигэстэрин бэстэригэр өйөннөрө уурдулар. Ат ыарҕаны быһан аҕалан биир өттүгэр өйөннөрдүлэр уонна үрүйэ кытыытыттан от үргээн аҕалан ыарҕа эркиннэрин үрдүгэр саба бырахтылар. — Тымныйа илик кэмҥэ утуйан турарга, маннык кэлтэгэй отуу туттааччылар. Эркинин салгын үргүйэр өттүттэн туруораллар, эркинэ суох өттүгэр кулуһун чоҕурда оттоллор. Күһүҥҥү сөрүүн түүҥҥэ туһалааччы. Баччаҕа түүн тыалырбат эрээри, салгын үрдүк сиртэн намыһах сир диэки хамсыырыгар үргүөрдэнээччи. Ол аата кэлтэгэй отуу эркинин сир үрдүк өттүттэн ууруллар, — диэн Дахха, бэйэтэ бэйэтигэр саҥарар курдук үлэлии-үлэлии кэпсии сырытта. Кини Сэкэтэ болҕойон истэрин билэр. Такайардааҕар ордук өйдөнөрүн бэйэтэ оҕо сылдьан барбыт үөрэҕэ. Аҕата Сэнэх Сэмэн кинини булт муударастарыгар оннук, маннык гын диэн дьаһайбакка, оҥорорун быыһыгар кэпсии сылдьара. Дахха туохха барытыгар, сөп дии санаабытыгар аҕатын үтүктэрэ. Аҕатын үөрэҕин саха мындыр үгэстэрин салҕыы ыччаккар тиэрдээһин эбит диэн ону үтүктэр. — Хаппыт мас көрдүү бардым, эн кулуһун отторго өмүрэхтэ, мутукта-итиктэ була тур, — сүгэтин кыбынан Дахха үрүйэ диэки барда. Бахсырдара хаһан да киһиттэн хаалбат бэйэтэ бүгүн бултан тииһэн, тотон, моҥкурдаан ыҥыырдар аттыларыгар түөрт атахтарын тыылыы тэбэн утуйа сытар. Дахха дүлүҥ сүгэн кэлэн отууттан тэйиччи бырахта. — Тайах эрдэлээн хааман эрэр быһыылаах, үрүйэ уҥуорунан тайах ньэкээлээбит. Лөкөй буолуо. Хата, Бахсыр барсыбакка эрэйтэн быыһанна. Халтайга үрэн сэниэтин эһиэ этэ, — Дахха отуутун чугаһынан сылдьыбыт тайаҕы бултаһа сатаабат. Киниэхэ сиириттэн ордук эт наадата суох. — Оттон тайах мэлдьи хаама сылдьар буолбат дуо? — Сэкэ аҕатыттан ыйытар. — Атыыр тайах мэлдьи сылдьар сириттэн тэйэн, тыһы көрдүү барарын хаамар диэччилэр. Алтынньы ый маҥнайгы аҥаарыгар, ордук үрүйэлэр, үрэхтэр ычыныктарыгар атыыр тыһытын хаайар. Ол кэнниттэн тыһыта аҕыс ыйынан ыҥаах төрөтөр. Булчуттар табылыннахтарына, ардыгар хаайсан турар тайахтарга түбэһэн түөрдү суулларааччылар, — Дахха кэпсиир. — Тыһылаах атыыр турдахтарына, ол хайдах түөрт тайаҕы охтороллоруй? — Сэкэ оҕолуу судургутук толкуйдаан, тоҕо элбээн хаалалларын быһааран билбэт. — Тыһыта быйылгы тугуттаах буолар уонна эдэр тайах чугаһынан иҥэҥнии сылдьааччы, — киһи эрэ барыта оннук бултуйбатын, булчут бэрдэ, түргэн туттуулааҕа бааттанарын ымпыгар-чымпыгар тиийэ кэпсээбэккэ, Дахха судургутук быһаарар. Мастарын мастаан, кулуһун оттон, тайахтарын үөс тардарыгар эт эбэн биир солуурчахтарыгар күөстэннилэр, иккис Сэкэ төргүүтүгэр илдьэ сылдьар солуурчаҕар чэй оргутуннулар. Чэйдэрин тайахтарын үүтүнэн үрүҥнэнэн, кулуһуннарын сырдыгар кэккэлэһэ ыҥыырдарыгар олордулар. — Дьэ, доҕор, оҕо киһи уоккун аһат. Аһыыр астан уокка өлүүлээн биэрээһини уоту аһатыы дэнэр. Саха киһитэ бастакы уот оттунааһыныгар оттубут уотун аһатыахтаах. Уот иччитин Тимир Тэмиэрийэни уонна сир-дойду хотунун Аан Алахчыны айах тутааһыны аһатыы диибит. Биэрэр киһи туттар илиитинэн, ытыһын олордьу тутан, илиитин таһыттан бэйэ диэки хамсатан биэрэр, ол сиэринэн уокка бэрсиллэр. Уот арыылаах алаадьыттан ордук үөрэр. Уот булт этин биэрэри сөбүлээбэт. Булт эһэкээнэ сүөргүлүүр, атын аһыттан кэрэйдэ диир үһү. Кэрэһэлиир булдугар сытырҕатан булт сыты ылымтыа буолар дииллэр. Уот айах тутары тустаахтарга тириэрдээччи үһү, — Дахха уолугар бэйэтэ тутуһар үгэстэрин кэпсээтэ. Сэкэ ыһык лэппиэскэтиттэн быһаары быһаҕын кыыныттан орообутугар: — Уокка бэрсэр аһылыгы илиинэн арааран ылан бэриллэр, тосту тутан ыл, эһэҥ Сэнэх үөрэҕэ, — диэтэ аҕата. Аҕалаах уол сиэри-туому толору тутуһан тото-хана аһаатылар. — Аттарбытын аһаппаппыт дуо? — Сэкэ эмискэ аҕатыттан ыйытар. — Сарсыарда халлаан сырдыыта туран, адаҕалаталаан ыытан үрүйэ айааныгар хабыалатыам, тоттук аттар тулуйуохтара. Хараҥаҕа сүөһү соччо аһаабат идэлээх, — улахаҥҥа уурбатахтыы эттэр, Дахха, биллэн турар, аттарын хайдах аһатар туһунан, бэйэлэрин астарын дьаһаныахтарын иннинэ толкуйдаабыт буолуохтаах. Уола аттарын умнубатаҕыттан иһигэр үөрдэ, дьаһахтаах киһи буолууһу диэн түмүктүүр. Кулуһуннарын уота сөҕүрүйүүтэ, кэлтэгэй отууларын анныгар сэксэлэрин үрдүгэр тэллийэлэрин тэлгэнэн, ыҥыырдарын сыттанан, бириһиэннэринэн саптан, Сэкэ улаҕа диэки, сыттылар. Сэкэ сытаат, күннээҕи түбүктэн арахсан, мунна тыаһаан барда. Даххалаах Бахсыр сэргэхтэр. Дахха кыратыттан айылҕалыын алтыһан, утуйдар да этэ-сиинэ сэргэх сытар. Бахсыр икки атахтаах истэр кулгааҕын, көрөр хараҕын ситэрсэргэ айылҕаттан ананан айдарбыт, эрэллээх доҕор, иччитин утуйар уутун туораттан кэлэн аймыахтара диэн, уутун быыһынан көрө-билэ сытар. Тулалыыр эргиннэрэ, айылҕа иһийэн, албаннаах оҕолорун көстүбэт аптаах сыралларынан имэрийэ кууһан, арчылыы турдахтара. Аттар төбөлөрүн нөрүтэн, харахтарын сабан, нуктуу тураллар. Кинилэр эмиэ тулалыыр эйгэ дьайар эрэдьиэстэрин билэр дьикти дьоҕурдаахтар. Дахха көхсө киэҥ, булчут-алчыт саха үйэлэргэ сэргэ сылдьыһан араҥаччыласпыт эрэллээх арыалдьыттара ыта, аттара бааллар. Кинилэр айыыһыт да, аньыыһыт да ыалдьыттыы кэлэрин биллэриэхтэрэ. Дахха сэрэнэрэ — кулуһунун уоттаах чоҕо. Төһө да бытархан тымныыларга сылааһынан илгийэн эти-сиини угуттаан, олох тыына буолбутун иһин, кинини көрөн-истэн, сүгүрүйэ дьаһайан сылдьыбатахха, алдьархайынан ааҥныан эмиэ сөп. Дахха уолугар уокка сүгүрүйүү үгэстэрин иҥэн-тоҥон, этигэр-сиинигэр тиийэр курдук кэпсии илигин дьэ өйдөөтө. Тоҕоос көһүннэҕинэ кэпсииргэ быһаарынан, күһүҥҥү түүн от-мас дуоһуйа тыынар сөрүүн салгыныгар куустаран, өйө-санаата нухарыйан барда. Сэкэ уһуктубута — күн үөһэ ойбут. Кулуһуҥҥа чэй оргутуллан, көлө маска уоттан тэйиччи тэскэччи ыйаммыт. Тула ким да суох. Аҕата аттарын тутан аҕала бардаҕа. Бахсыр улахан иччититтэн хаалбат. Өйдөөх. Барытын билэн сылдьар. Иччитэ бултууругар инники ырааҕынан тэлэһийэ сылдьар, хаһан эмэ эргиллэн, билэ-көрө курдук охсуллан ааһар. Көннөрү суол аргыһа буоларыгар инники чугас иһээччи. Суолу туора-маары сүүрэлии сылдьан, эргиллэн көрө-көрө барар идэлээх. Улахан иччитигэр эккэлээн эриллэ сылдьыбакка, дуоспуруннаахтык сыһыаннаһар. Сэкэҕэ сыһыана атын. Тула көтө сылдьан, өрө тура-тура эккэлээн, түөрэ көтө сыһааччы. Сэкэ туран тыыллаҥнаан дьааһыйан баран, үрүйэҕэ элэстэнэн баран суунан кэллэ. Чочумча буолаат, аҕата аттарын сиэтэн, адаҕаларын тоҕоноҕор иилэ быраҕан тиийэн кэллэ. — Чэ, доҕор, аккын ыҥыырдаа, ыҥыыры биллэрэ таарыйа чэйдиэх иннинэ ыҥыырдыыр ордук. Ат да айаҥҥа бэлэмнэнэр буоллаҕа, — Дахха идэтинэн сиэри тутуһары быһаарда. Сып-сап аһаан, айаннарыгар туруннулар. Күнүскү ыам саҕана Оҥхойдооххо тиийдилэр. Оҥхойдоох Оҥхой үрэҕэ эргийэ көтөр үрдүк быар тумулугар турар, урут кимнээх эрэ олоро сылдьыбыт өтөхтөрө. Туруору тутуулаах дьоҕус балаҕаннаах хотон элээмэлэрэ хаалан, өрүкүйэ үүммүт от быыһыгар саһа сатаабыттыы, сиргэ тимирчи түһэн хаҥналлан тураллар. Балаҕан үрдүгэр от үүнэн өрөһөлөммүтүн ааһан, хантан ыстанан тахсыбыта буолла, иирэ талах кыттыспыт. Балаҕан ааныттан сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ ат баайар сэргэ иҥнэйэн турар. Сэргэ ат көнтөһүн баайара, чочуйан, тупсаран оҥоһуута суох судургутук моонньооһуннааҕыттан сэрэйдэххэ, дьадаҥы ыал олохторун тутуулара өтөхсүйбүттэр. Оҥхой кыра эрээри, үрдүк сыырдаах, дириҥ уулаах үрэх. Кураан дьыл от ыйыттан оломунан кэстэрэн туораныллар, онон кусчуттар-масчыттар мээнэ сылдьыбат суоллара. Сири-уоту бэркэ билэр киһи буолан, сылдьар суол омооно хаалбыт. Үрэхтэрин өҥөйөн көрбүттэрэ, уһун самыыр кэнниттэн хаатыйата уунан туолан, кими да билиммэппин диирдии, бычалыччы көрөн сытар. — Дьэ, доҕор, үрэхпит халаанныахтааҕын үөйүллүбэтэх. Тоҕо бэрдэй, бачча сааска диэри уһун ардах кэнниттэн үрэх ууланыахтааҕын умнар, — Дахха бэйэтин сэмэлэнэр. — Хайыахпытый, төннүөхпүт дуо, туораан көрөргө тиийэбит. — Тыыта суох хайдах туоруубут? — Сэкэ, билбэтин ыйытан иһэр үгэһинэн, ыйытта. Дахха саҥата суох олорон саппыйатын таһааран, мохуорка табаҕын хаһыат сууга табынатан, кыһанан-мүһэнэн чороччу эрийэн сото оҥостон уматынна. Табаҕын буруота айаҕыттан тахсан хаалыаҕын өрүһүспүттүү күүскэ эҕирийэн ылар. Буруота уһаабакка, соругун толорбуттуу, аа-дьуо муннунан төттөрү тахсар. Аҕата хайдах үрэҕи туоруурун толкуйдаан, тута эппиэттээбэтин Сэкэ сэрэйэр. Чочумча олорбохтоон баран: — Таһаҕаспытын кыра болуот охсунан соһон таһаарыахпыт. Аттарбытын миинэн харбатыахпыт, — аҕата дьэ быһаарда. Дахха өтөх иһигэр киирбэккэ, кэриилии үүммүт тиит ойуур саҕатын ааһан үрэҕи кыйа кэлбитэ. Үрэҕи батыһа сыыр сирэйиттэн үөһээҥҥэ диэри, иирэ талах саба үүнэн, уруккута туоранар сир көстүбэттии сүппүт. Үрэҕи кыйа сэдэх мастаах ойуурга кэлэн тохтоон олороллор. — Чэ, доҕор, аттарбытын сыбыдахтыахха. Тэллийэ сытыйара ат көхсүгэр куһаҕан. Мэлдьи куурда сылдьыллыахтаах, — саппыйатын сонун ис сиэбигэр укта-укта туран кэллэ. — Тохтоо, доҕор, ындыыгын түһэрбитим кэннэ холуннарын төлөрүтээр, — диэн уолун атын ындыытын боппоругун сүөрэн хачымахтанан барбытын тохтотон, бэйэтэ ситэри сүөрэн, сымаларын холбуур мас хараҕатын төлөрүппүтүгэр нөҥүө өттүнээҕи сымата сиргэ «бөс» гына түспүтүгэр ата сиргэнэн ходьоруҥнаан ылла. Аттарын сыбыдахтаан, таһаҕастарын биир сиргэ чөкө уурдулар. — Хаппыт мас чугаһынан баара дуу? — Дахха ойуур диэки олоотоото. Сэкэ өтөх диэки ыйа-ыйа: — Балаҕан эркиниттэн ылыахха ээ, — үлэлэрин чэпчэтэр суолу толкуйдаабыттыы тутунна. — Кэбис, тоойуом, сатаммат, — Дахха уолун тоойуом диэбэт бэйэтэ, тоҕо эрэ дьиктитик саҥарда, — Былыргы өтөхтөр туохтарын да тыыппат буол. Уола тоҕо тыытыллыа суохтааҕын өйдөөбөтөҕүн сирэйиттэн-хараҕыттан сэрэйдэ быһыылаах: — Дьон олохсуйан олорбут сирдэригэр куттара-сүрдэрэ хаалан хаалар уонна таһыттан өтөхтөрүн көрө-билэ сылдьаллар. Малларын-салларын, тутууларын ыһары-тоҕору, алдьатары сөбүлээбэттэр. Маҥнай тыаһаан-ууһаан сэрэтэллэр, ону истибэккэ салҕыы оҥордоххуна куһаҕаннык саныыллар. Ол санаалара киһиэхэ иэдээнинэн эргиллиэн сөп. Айыы дьоно олоро сылдьыбыт сирдэрин өтөх, олорор кэмнэригэр олох, оттон аньыыны оҥорор, хара санаалаах дьоннор буулаабыт сирдэрин уораҕай диэччилэр. Биһиги олохпут Хараанай, оттон таҥаралаатахпытына Даккылаах өтөхтөрө диэн ааттыахтара. — Оччоҕо абааһы баар дуо? — Сэкэ токкоолоһор. Дахха туох диэн эппиэттиэн билбэт. Баар диэҕин, абааһы суох диэн үөрэтэллэр. Суох диэҕин, араас сиргэ-уокка сылдьан сибикилэри этинэн-хаанынан истэ-билэн сылдьар. Уолугар бэйэтэ өйдүүрүнэн, айылҕаҕа халы-мааргы сыһыаннаспатыгар сэрэтэн, суох-баар диэбэккэ, өскүөрүтүн эппиэттииргэ сананна: — Киһи билбэтин абааһы диэн ааттыыр. Харыйалаахха араадьыйаны саҥардаллар дии, аармыйаҕа араассыйа баара, олору былыр өбүгэлэрбитигэр иһитиннэрбит киһини илэ абааһы сылдьар диэн ханна куотуохтара биллибэт буола куттаныа этилэр. Аһаҕас эттээх, харахтаах кырдьаҕастар киһи кута-сүрэ өлбөт, орто дойдуга хаалар дииллэр. Айыы киһитин кутун-сүрүн от-мас, хамсыыр харамай иччилэрэ ылаллар, оттон аньыылаах киһи дэриэтинньик буолар үһү. Төһөтө кырдьыгын билбэтим эрээри, мээнэни амалыйбатах кыдьаҕастар буолуо, — Дахха билбэтин билиннэ, салҕыы: — Сахаларга былырбылыргыттан киһи хараллан сытар мэҥэтэ уонна былыргы өтөхтөр — ытык сирдэр. Соруга суох ити сирдэргэ сылдьыбаттар. Кэллэхтэринэ улаханнык саҥаран, тугу эмэ тыытан, ылан бокуонньуктар куттарын-сүрдэрин уйгуурдубаттар, — Дахха сиргэ сытар ыҥыырыгар олорон уолугар наҕылыччы сэһэргээтэ. Күн хайа сахха күнүскү ыам ааһан, түөртүүр диэки барбыт. Болуот оҥостон үрэхтэрин туоруохтарыгар диэри киэһэрииһи. Дахха дьэ дьабдьынна, туттара-хаптара түргэтии быһыытыйда. — Болуот маһа булан кэлиэм. Ол арыый налыы түһүүлээх сир диэки кыайаргын чугаһата тур. Туораан баран өллөнө түһүөхпүт. Чэ, доҕор, кытаат, — сүгэтин кыбынан, киэҥ-киэҥник атыллаталаан үрэҕи өрө, лиҥкир тиит ойуур диэки барда. Сэкэ таһаҕастарын ыарахан, чэпчэки диэн араартыы сатаабакка, сымаларын соһон, кыайардарын көтөҕөн аҕата ыйбыт сиригэр аҕалтаата. Аҕата өр күүттэрбэтэ, икки хаппыт дүлүҥнэри сүгэн кэлэн түһэрэн баран, иккиһин кырынна. Үрэх халааннаан, уута өрө анньан, болот охсорго табыгастаах налыы кытыыта суох, үрдүк сыырыгар анньан турар. Уу — хамсыыр харамай, мас-от утаҕа, сиргэ олох сайдыытын кэрэһиттэриттэн биирдэстэрэ эрээри, эмиэ уот курдук өһүргэс, сэнэнэрин сөбүлээбэт, далайыгар ыллаҕына туһуннарар сиэлэ-кутуруга, өрүһүйэ уунар илиитэ суох. Үрэх ып-ыраас, тыбыс-тымныы дьүүктэлэртэн тардар уута ардах кэнниттэн, күн уотугар күлүмүрдүү сандаарар бэйэтэ, киҥнээх дьахтар хаана оонньообутунуу, будулуйбут. Иннин диэки ыксаабыттыы дьулуруйа анньан иһэн, үрэх сыырын талахтарыгар анньыллан, суолун мэһэйдэппиттии, күүгэннирэ кыбырыттан, дьэрэлиҥнии эргийэн ааһар. Дахха, уу оборон ылыахтыы, оботтоохтук эрилиҥнии оонньуурун көрөн салла санаата да, хайыай, сатабыллаахтык дьаһаныахтааҕын эрэйэрин өйдөөтө. Мастарын үөһэ холботолоон баран, болуотун силээгэнэн ууга үтэн түһэрэргэ быһаарда. — Чэ, доҕор, баран түөрт тоһоҕо маста быһан кэл. Титириккин кэрдэргэр көрдөһөргүн умнума, — Дахха кэпсээбитин санатар. — Туох диэн көрдөһөбүнүй? — Сэкэ ыйытар. — Судургу соҕустук, улаханнык наадыйан ылан эрэбин, сүөргүлээмэ, баалаама диэр, — Дахха үлэтин тохтоппокко эппиэттиир. Тоҥ күөс быстыҥынан, иирэни көпсөлөөн эрийэ баайбытын туттара ытаһа охсон, түөрт хаппыт дүлүҥүнэн болуоттарын охсон бүтэрдилэр. Сэкэ быспыт тоһоҕолорунан силээгэ ууран, онон үҥкүрүтэн улаханнык ычахтаспакка ууга киллэрдилэр. Сүүрүк охсон болуоттара бара сатыыр мөккүөрдээх, иирэлэргэ иҥиннэрэн туран таһаҕастарын тиэйдилэр. Дахха бэйэтэ уҥуор харбаан тахсан баран, болуотун соһон ылар санаалаах. Үрэҕин кэтитэ отучча хаамыы. Онно тиийэр быалара суох. Аттарын быата-туһаҕа суох адаҕалаан ыыталаан баран, көнтөстөрүн, тэһииннэрин, төргүү быаларын, ыҥыырга илдьэ сылдьар быаларын салҕаабыттара уонча былас эрэ буолла. Дахха уһун иирэ талахтары салҕаталыы баайталаан быатын уһатта. Быа төбөтүн биилигэр баанан, үрэҕин харбаан туораата. Турар сиригэр тирэҕин булунан баран уолугар үөгүлээтэ: — Бааллан турар талаҕын быһа охсон кэбис уонна ураҕаскынан үтэн үөскэ киллэрис. Болуот, дьэ босхолоннум диэбиттии, сүүрүк хоту дьулуруччу уста барда, өр көҥүл көччүйбэтэ, Дахха тутан турар быатыгар тутуллан эргичиҥнии тустэ. Дахха маҕыйа-маҕыйа тардар, Сэкэ хоҥноругар эрэ кылгас ураҕаһынан үтэн көмөлөстө. Дахха болуотун тардан туоратан, таһаҕастарын үөһэ таһан баран, аттарын тэһииннэрин туппутунан төттөрү харбаан таҕыста. Күһүҥҥү уу тымныытыгар ибигирии тоҥмут да, туоруу охсор мучумаана хамсатан ону өйдүүр бокуойа суох. Аттарын тутан үүннэрин кэтэртилэр. — Дьэ, доҕор, таҥаскын устан үчүгэйдик сааһылыы баайан нотуруускалыы, сытыппат курдук сүк. Даадар ууга үөрүйэх, Улаан ууга киирэ илик эрээри, аты батыһыа, онон кинини эн миинэҕин, — диэн Сэкэ миинэн кэлбит атын тэһиинин ылбытыгар тохтотто. Эмэҕирбит чөҥөчөк турарыттан салҕанан аттарын мииннилэр. — Атыҥ тэһиинин тута сатаама, сиэлиттэн ыһыктыбат курдук ыксары тутуһан олор, ууттан өрө батыччахтаан тахсыа, онно сэрэнээр, — уолун сэрэтэр. Дахха Даадара сыыр үрдүгэр тиийэн, саллыбыттыы үрэҕи көрөн турда, соруйдаҕына баһын чоноҥнотор. Күүскэ тиҥилэхтээбитигэр ата араас моһуоннаах айаннарга сылдьа үөрүйэҕинэн, сыыры туруору түспэтэ, сырыынньа барда уонна кытыытыттан дириҥ ууга биирдэ «бар» гына түстэ. Атахтарынан сири булбакка ууга тимис гынаат, дагдас гынна. Сэкэ ата тохтуу сатаабакка, олук үктээн батыһан, ууга түһэригэр Даадарга анньылла сыста. Булумахтан тахсан, ким үөрэтиэ баарай, айылҕатын ыйааҕынан улахан ат кэнниттэн харбаабытынан барда. Балачча сүүрүккэ оҕустаран үрэхтэрин туораатылар. Үрэх ааттыын Оҥхой, сыыра эмиэ үрдүк. Айылҕаҕа туох барыта орто дойдуга уһуннук олорбут тулалыыр эйгэтигэр сылдьарга ордук үөрүйэхтэнэр. Бу да сырыыга оннук буолла. Даадар уу кытыытыгар харбаан тиийээт, чугуруҥнуу барбата, өрө хололоон, кэнники атахтарынан сири булаат, сыыры сырыынньа батыччахтаан таҕыста. Сэкэ Улаана быһа тахса сатаан, күүһүн былдьаһан өрө хололоото. Сэкэ ууга эһиллэн хаалла. Ата уутугар төттөрү түһэн булумахтанан баран, иккиһин төхтүрүйэн, бүгүллэҥнии-бүгүллэҥнии, батыччахтаан син үөһэ таҕыста. Сэкэ сатаан харбаабат. Харбыырга ханна үөрэниэй. Мэлдьи өрүстэн ыраах сылдьар. Сөтүөлээн ууга буккуллар эрээри, харбыырга үөрэнэр курдук буолбакка, от үрэх хомо курдук ото суох ыраас сиригэр курданарынан чычааска чомполонор. Дахха, уолуйары билбэт киһи, дьэ ыксаата, аҕыйахта ойоот, ууга ыстанна уонна чачайан тарбачыһа сылдьар уолугар аҕыйахта дайбаан тиийдэ. Кини ууһут. Кытыыттан сүүрүк охсон тэйэн эрэр Сэкэни харбаан ылан, хаҥас хонноҕор кыбынан ойоҕоһунан харбаан кытыыны былдьаста. Сэкэ нотуруускаламмыт таҥаһа илби сытыйбыт, хата ыһыллыбатах. Дахха уолугар болуотунан туоратыллыбыт халыҥ ыстаанын, чылыгырыайкатын, этэрбэһин биэрэр: — Кураанах таҥаста таҥна оҕус уонна көлөһүн тахсыаххар диэри сүүр, — аҕата булгуччу толор диирдии кытаанахтык эттэ. Сэкэ Бахсырын кытта сүүрэ сырыттахтарына, Дахха аттарын ыҥыырдаан, ындыылаталаан бүтэн: — Чэ, доҕор, кэл, бардыбыт. Мантан биэс биэрэстэ курдук ат өртөөн аһатарга киэҥ соҕус ырааһыйалаах алыы баар, онно тиийэн куурдунуохпут, хонуохпут. — Аккын миинимэ, сиэтэн ис, — диэт, Дахха атын сиэппитинэн сүүрэн сэкэйэн барда. Даадар үөрүйэҕинэн иччитин кэнниттэн тилэх үктэһэн барда. Сэкэ ата сүүрбэт, түргэтээтэҕинэ баһын чоноҥнотор эрэ. Ыытан кэбиспитэ соруттарыыта суох начаас инникилэрин ситэн ылла. Сэкэ да хаалбат, сүүрэргэ да үчүгэй. Физкультура уруогар сүүрүүгэ оҕолортон инники сылдьааччы. Бахсыр туһунан кэпсии да барыллыбат. Үрэҕи ким хайа иннинэ туораабыта, сири булаат, илгистэн уутун ыста, мэһэйи туораатым дии санаабат буолуохтаах. Күөс быстыҥынан алыыларыгар тиийдилэр. Дахха чопчу булчуттар отууланар сирдэрин таһыгар тохтоото. — Дьэ, доҕор, манна булчуттар өрөттөн-таҥнарыттан иһэн тохтоон ааһар сирдэрэ. Быйыл сайын сылдьан ааспыттар эбит. — Сылдьан ааспыттарын хантан биллиҥ ээ? — Сэкэ ыйытар. — Булчут киһи барыны барытын бэлиэтии көрө сылдьыахтаах. Ити турар от отууну көр эрэ. Хаһан отунан саппыттарый? — Дахха уола ыйыттаҕына, түгэн көһүннэ диэбиттии, ымпыгын-чымпыгын бэйэтигэр быһааттара сатааччы. — Оттон, күөх отунан саппыттар дии, — Сэкэ ситэ өйдөөбөккө турар, аҕата салҕыы: — Отуу сабыы ото курсуйбатах, ол аата быйылгы үүнүү оту үргээн аҕалан саппыттара хаппыт. Кэпсэтэллэрин быыһыгар Дахха атын сыбыдахтаата, уолугар сыматын түһэрэн биэрдэ. Дахха уола бэйэтэ кыайарыгар, сатыырыгар көмөлөспөт идэлээх, көмөлөстөҕүнэ да хайдах оҥордоххо дөбөҥнүк бүтэриллиэхтээҕин быһааран биэрэр, үөрэтэр үгэстээх. — Чэ, доҕор, кулуһунна отто тур, уу баһан аҕалыам, эн көлүкэни булуоҥ суоҕа, — солуурчахтарын ылан алыы диэки барда. Сэкэ аҕата кэлэригэр кулуһуннаах көрсөргө сананан хаппыт мутуктары хомуйа охсон, өмүрэхтэтэн уматта. Аҕата уһаабата, икки илиитигэр уулаах солуурчахтарын тутан тиийэн кэллэ. Уола кулуһунун саҥа сиргэ оттубутун көрөн: — Хайа, доҕор, тоҕо ити кулуһун оннуттан атын сиргэ отуннуҥ, — дьиктиргээн ыйытта. — Биһиги булчуттартан атын дьон, кинилэртэн туспа, бэйэбит уоттаныахтаах буоллахпыт дии. Уот сахаҕа ытык уонна анаан, сэрэнэн туттар тэрил диэччигин буолбат дуо. Анал уоппутун тоҕо кинилэри кытта холбоотохпутуй? — Сэкэ дьоһумсуйа туттан туран эппиэттиир. Дахха уолун эппиэтин сөҕө, дьиктиргии иһиттэ. Ытык, анал, сэрэнэн диэннэри өйдөөбүтэ үчүгэй эрээри, уоту мээнэ сиргэ оттуна сылдьыбаты анаан-минээн быһаарарга сананна. — Кэбис, туспа уоттаныа суохха. Отууга уоттанар сиргэ көһөрүөххэ, — абырҕал мутуктары баһыгыраччы сиэн бүтэрэн эрэр кулуһуну сабыта үктээн умуруорда уонна: — Чэ, доҕор, абырҕалла өссө хомуйан кэл. Мин сэниэлээх соҕустары булуом, — сүгэтин туппутунан ойуур үөһүн диэки барда, сотору сүгэтин тыаһа баһырҕаан киирэн барда. Иккиэн булбуттарын аҕалан кулуһуннанар олоххо көмөлөөн уоттарын отуннулар. Дахха сыматыттан эт хостоон таһааран, хардаҕас үрдүгэр ууран кыра кырбас гына бысталыы-бысталыы: — Түргэнник күөстэнэргэ эти кыралаан кырбастанар, түргэнник буһар. Бөдөҥ кырбас бытааннык эрээри, астыйа буһааччы, — кырбастарын хочулуогар уган көлөҕө ыйаата. Чэйбит уутун күөспүт тэбэрин саҕана ыйыахпыт, — Дахха үлэтин бүтэрэн, илиитин окко сотон баран дүлүҥ үрдүгэр дьоһуннанан олорон табаҕын эринэн, уоттаах төҥүргэһи ылан уматынна уонна Сэкэҕэ кэпсээнин саҕалаата: — Мээнэ уоттаныллыбат. Кулуһуннанар сири сирийэн көрөн талыллыахтаах. Чиҥ, ийэ буордаах сиргэ булуллар. Көпсөркөй буордаах, силистээх-мутуктаах сиргэ уот хонон хаалыан сөп. Кэннигиттэн умайдаҕына ойуур уота туран иэдээни таһаарар кутталлаах. Уот кыыл бардаҕына тугу да аһыммат, оннооҕор таастар хайыта бараллар. Уот сиэбит сирэ куруҥ буолар. Маһа хатар. Үөл мас үүнэн өр кэминэн ситэр. Куһаҕана булт-алт күрэнэр, эргиллибэттэр, саҥа тиийбит сирдэригэр ыырданаллар. — Оттон Хаахынайдаах уот сиэбит сирэ дии, онно от, талах бөҕө үүнэр буолбат дуо? — Сэкэ ыйытар. — Ойуур уота сир кырсын сиэбэккэ үөһэнэн барар. Төттөрүтүн, күлэ-көмөрө сири ньүөлсүтэр. Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сири өртөөн харайаллара. Уоту ыыппат курдук саас хаар уулбутун, сир кырса куура илигинэ, күһүн сэбирдэх түспүтүн кэнниттэн, манаан сылдьан өртөнөр. Сылгы былырыын өртөммүт сиргэ хастардахха быһа түһэн ырбат, тоттук кыстыыр, — ити курдук лаппыйан кэпсиирин истээри Сэкэ билэрин да ыйытааччы. Аҕата кинини кытта сырыттаҕына айаҕа хам буолааччыта суох. Ыйытыгар эппиэттиирин ааһан, үлэлии-хамсыы сылдьан тугу, тоҕо, хайдах туттары, оҥорору өйдөтөн, саас сааһынан быһаарарын, Сэкэ олус сөбүлээн, болҕойон истэ үөрэммит. Тыҥ хатан, кулуһуннарын борук-сорук сырдыгар отууга утуйар сирдэрин оҥостон сыттылар. Сэкэ сытта да мунна бучугураан барда. Оҕо өйө-санаата сырдыга, этэ-хаана чөлө, кута-сүрэ ырааһа, үтүөҕэ-мөкүгэ ситэ мүккүллүбэккэ, айылҕа тугу айбытынан сылдьар тыллан эрэр олох саҥа үнүгэһэ буоллаҕа. Түүһүүр түүллүүн кэрэ, тугу көрбүтүн-билбитин, баҕарар баҕатын кэнэҕэскилээн бу баардыы дьэҥкэтик көрөн эрдэҕэ. Дахха кэлтэгэй отуу үрдүнэн халлааҥҥа бачыгыраспыт, имнэнэрдии чыпчыҥнаһар аата-ахсаана суох сулустары өр көрөн сытта. Кыра сааһыттан хара үлэ, булт соноро мускуйан үөрэппит саха мындыр киһитэ муҥура биллибэт халлаан утуйардыы хара таҥаһынан саба тардыммытын курдук бүрүөтүн тэһитэ көрөр сулустары одуулуурун быыһыгар тугу толкуйдаабытын ким билиэ баарай? Сарсыарда эрдэ хомунан айаннарыгар туран Харыйалаахтарыгар күн ортотун саҕана тиийдилэр. Дахха күнүскүнү чэйдээн баран төннөөрү хомуммутугар балта Балаагыйа: — Хайа, бараары тэринниҥ дуо? Хонон барыаххын, сырдыкка бөһүөлэккэ биийбэт буоллаҕыҥ дии. Аҕалбыт кэһиигин булууһу булларан эҥин барыаххын. — Түөрт эр киһилээххин дии. Үлэҕэ үөрэтэлээн көмөлөһүннэрэн ис. Дьаһахтаах дьон буола улаатыахтара. Сатабыл киһиэхэ куһаҕаны оҥорбот, — Дахха үөрэтэ былаан хардарда. — Саҥаһыҥ сүтүктүө. Арахпыппыт икки хонно. Манна хоннуктуу сыттахпына биэс күнү сүтэрэбин. Сарсын киэһэ тиийдэхпинэ сатанар. — Сатаатар, лааппы аһылларын кэтэһэн, соччо киһи ымсыырара суох да, наадалааххын ону-маны ылан барыа эбиккин. — Баран иһэн таарыйан ааһыам. Элбэҕи соччо тугу да ылар соругум суох, — диэн тахсан барбыта. Сэкэ Куолустуун көрсүбүт үөрүүлэригэр аралдьыйан аҕата барбытын билбэккэ хаалбыта. Кинилэр кэпсэтэр сонуннара элбэх. Сэкэ сайыны быһа айылҕалыын алтыһан көрбүтэ-билбитэ элбэх эрээри, Куолус саҥата элбэҕинэн, сабырыта кэпсиир. Дахха Улаанын мииннэ, Даадары сэтиигэ улгумун иһин холбонно. Бу да сырыытыгар Оҥкучаҕынан быһалыы барда, Күрүөлээҕинэн эргийбэт. Быһалаан суолун кылгатар уонна эдэр атын ууга үөрэтэр соруктаах. Үрэҕин сырдыкка туораан, түүннэри бара тураары аттарын харса суох соруйан, сир ылбахтаһарга быһаарынна. Дахха тайҕа киһитэ. Кини ытын Бахсыры, атын Даадары уонна саалаах быһаҕын илдьэ сылдьан этэҥҥэ айанныырыгар эрэнэр. Улаанын Даадар курдук эрэллээх миҥэ оҥоруохтаах. Бахсыра кырдьа илигинэ, булка мөлтүү илигинэ ыт оҕото ииттиэхтээх. Бахсырга уһуллан улахан булчут ыт иитиллэн таһаарыахтаах. «Ити Балаагыйаҕа этэн Архыыптаахха ыттарын оҕотугар үлэһэн, төрөөтөҕүнэ ылаар диэн кээспэккэ сыыстардым. Чэ, аныгыскы сырыыга», — дии санаата. Атын сэниэлээхтик соруйан, хаамтаран ханаҥалатта уонна ыллыыр-туойар икки ардынан, саҥа таһаарбакка киҥинэйэ истэ.
Уһук Уйбаан
3 чааһа (ТӨННҮҮ)
Сэкэ сарсыарда туран ийэтэ үөрэххэ кэтэргэ анаан тикпит саары этэрбэһин, торукуо ыстаанын, күөттүйэн көстөр сурадаһын ойуулаах сиидэс ырбаахытын үрдүнэн хара мөлбүөт кууркатын кэтэн Куокустуун айахтара хам буолбакка кэпсэтэн, оскуолаларыгар тиийбиттэрин билбэккэ хааллылар. Кэпсээннэрэ бүппэт дьон. Оҕолор хайа сахха оскуолаларын кытта бодоруһан тиэргэҥҥэ сүүрүү-көтүү бөҕө. Сэкэ саҥа кэлбит киһи быһыытынан дук-дах туттан, Куокатын кэнниттэн дьиэҕэ киирдэ. Аан боруогун атыллаат дьэ өйдөөтө — ханнык кылааска баарын билбэт эбит. Учууталыскай диэн ааттыыр хосторугар киириэн олус саллар. Учууталлар бары мустан олордохторуна киирэн туох диэҕэй? Бэһис кылаастарга киирэн, иккис сылын, кини санаатыгар, кыра оҕолору кытта үөрэниэн отой баҕарбат. Куокуһун батыһан алтыс кылааска кииристэ. Табаарыстара үөрэммиттэрэ үһүс күнэ буолан, көрсүһүүлэрин үөрүүтэ ааһан, сонун киһини Сэкэни үүйэ туттулар. Ыйыталаһалларын ааһан, тутан-хабан көрөөччү кытта баар. Кыргыттар өрүкүнэспэттэр. Паарталарыгар олорон бэйэлэрэ туспа, күлэн бычыгыраһан ыла-ыла, тугу эрэ кэпсэтэллэр. Ол ньамалаһа сылдьан, уруок саҕаламмытын биллэрэн, дьурууһунай учуутал көрүдүөргэ хаама сылдьан, чуораан чылыгыраппытын да, учуутал киирбитин да билбэккэ хааллылар. Испирдиэн Хабырыыллайабыс кылаас ааныгар төп-төгүрүк таастаах, хараҕын оҥкучахар оруобуна сыста сылдьар ачыкыта килбэчиҥнии турарын, ким эрэ элэҥэс көрөн, уку-суку олорор паартатыгар барбытыгар, оҕолор дьэ өйдөнөн үрүө-тараа сырсан миэстэлэрин буллулар. Сэкэ бары миэстэлэрин булбуттарын кэнниттэн, учуутал остуолун иннигэр турар паартаҕа паартаҕа соҕотох ордон хаалбыт миэстэҕэ Кыыдааналыын олордо. Бастакы уруогунан нуучча тылын ааҕыыта буолар эбит. Учууталлара Испирдиэн Хабырыыллайабыс Наһаарап кылаас иһин, оҕолору ааҕардыы, эргиччи көрдө уонна турбахтаан баран: — Сэмиэнэп атын кылааска киирбиккин. Күһүҥҥү нуучча тылыгар суругунан туттарыыгын туттарбатаҕыҥ, күһүҥҥүгэ хаалларбыты туттарар кэм ааста, онон бэһис кылааскар хаалаҕын. Быйыл эмиэ бэһис кылааскар үөрэнэҕин, — учуутала тимир-тамыр курдук этэн кэбистэ. Испирдиэн Хабырыыллайабыс алта уончалаах, үрдүк уҥуохтаах, кинини эмис да, хатыҥыр да диэбэт толору эттээх-сииннээх, көбүс-көнөтүк чинэччи туттан, киэҥ-киэҥник атыллаталаан, чиккэлдьийэн хаамар, синньигэс хара иилээх ачыкытын хаһан да устубат, сахаҕа хомпоҕор дэнэр муруннаах, кыырыктыйан эрэр долгуннурар хара баттахтаах, кыһаан сирэйдээх толуу киһи. Оҕолор көрө толлор учууталлара. Кинини олох долгуннара дьалкыҥнатан, эрийэн-мускуйан кыраттан кыһаллабат, мээнэҕэ мырдьыҥнаабат, соҕох курдук дьилэй, кытаанах оҥорбуттарын оҕолор хантан билиэхтэрэ баарай. Билэллэрэ — Испирдиэн Хабырыыллайабыс биирдэ эппитин төлөрүппэт, төбөтүн дьүккүччү туттан, ачыкытын килэбэчис гыннардаҕына бүттэҕэ ол. Оҕолор, кини иннилэригэр ыраах иһэрин көрдөхтөрүнэ, мэник-тэник, дьээбэ-хообо уолаттар кытта, ырааҕынан туораан, тумнан ааһааччылар. Идэтинэн кыра кылаастар учууталлара. Учуутал тиийбэтинэн, оскуолаҕа соҕотоҕун нуучча тылын үөрэтэр. Киниттэн атын күһүҥҥүтүн, хойутаан да буоллар тутан, кылааһын таһааран Сэкэни абыраабат. Бэһис кылааска хааллардаҕа ити. — Кылаастан таҕыс, уруок бүттэҕинэ учууталыскайга киирээр, — бу сырыыга тобулу көрбөтө, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн сурунаалы аһан тугу эрэ суруйан барда. Испирдиэн Хабырыыллайабыс биир дьикти уратылаах, кини кылааска остуолугар олорбот, хаама сылдьар идэлээх. Кини уруогар кистии-саба атынынан дьарыктанар хайдах да табыллыбат, ол туһунан саныы да барыллыбат. Тутулуннаххына иэдээн. Дьиҥинэн, хаһан да мөхпөт, сорудаҕынан дьарыктаммакка олороргун биллэҕинэ дуоскаҕа таһаарар уонна, курдары көрө сатыырдыы, тонолуппакка одуулуур идэлээх. Ол да көрөрө буруйдаммыты сөп гынар. Салҕыы, боппуруос биэртэлээн сорудаҕын өйгө толотторор. Хата, болҕойбут оҕо сорудаҕы толорор үлэтин чэпчэтинэр буолан, кылаас барыта истээччи. Испирдиэн Хабырыыллайабыс уруок тиэмэтин оҕоҕо тиэрдэр албаһа быһыылааҕа, сырыы аайы эбэһээт кими эмэ дуоскаҕа таһааран, ыйыта-ыйыта бэйэтэ көмөлөһөн эппиэттэтэрэ. Оскуола оҕото барыта нуучча тылыгар кыһанан үөрэнэ сатыыр. Кыһалла сатааһын үтүө түмүктээх. Нуучча тылын суруйуутугар оҕо үксэ үчүгэй, тылынан кэпсээһин өттө кыайтарбат. Ханна нууччалыы кэпсэтэн саҥара үөрэниэхтэрэй. Күрүөлээх оскуолатын Сэкэни кытта бүтэрбит оҕолор кыһаллыы көмөтүнэн, син ортолоругар сылдьыһан кылаастарын тахсан ити үөрэнэ олороллор. Кини Күрүөлээҕэр нуучча тылын дьаныһан үөрэтэ сатаабатаҕа. Атын уруоктарга түөртэн итэҕэһэ суох үөрэнэр буолан, учуутала нуучча тылыгар лаппа мөлтөҕүн дьыалайдаабата. Сэрии бүппүтэ төһө да иккиттэн ордук сыл аастар, Саха сирин килэмэн иэнигэр тарҕанан олорор бөһүөлэктэр кыра оскуолалара үөрэх тэрилинэн ситэ хааччылла илик кэмнэрэ. Чэрэниилэнэн суруйар бөрүөлээх уруучука учууталларга эрэ баара, ону да иһитин сорохтор солбуһан тутталлара быһыылааҕа. Суругунан үлэлэри толорорго анаан биирдии тэтэрээт уонна боростуой харандаас биэрэллэрэ. Үөрэх кинигэлэрэ сэрии инниттэн туттуллан, эргэрэн, холустук арыйдахха хайа ыстана сылдьаллара. Оскуолаҕа биир сүрүн ирдэбилинэн үөрэнэр кинигэни ыраастык уонна алдьаппакка харыстаан тутуу буолара. Оскуолаҕа нэдиэлэ бастакы күнүгэр оҕолор ыраас туруктарын көрүүнү сэргэ үөрэх кинигэлэрин туругун бэрэбиэркэлииллэрэ. Кылаас иһэ уу чуумпу. Сэкэ үөрэҕэр саҥа кэлэн, тэтэрээтэ да, суруйар тэрилэ да суох, сулумах турар бэйэтэ. Төбөтүн умса, көхсүн оҕотун бөгдөччү туттан, хаҥас илиилэрин налбыччы түһэрэн, уҥатынан кэтэҕин тарбана-тарбана, атаҕастаммыттыы сананан, киһи аһыныах сукуҥнаан, кылаастан тахсан барда. Учууталыскайга соҕотоҕун киириэн саллан, Испирдиэн Хабырыыллайабыс уруогуттан тахсарын күүтэн, сатаатар кини кэнниттэн батыһан киирэргэ сананна. Күүттэххэ кэм барара уһун, Сэкэни уруок бүтэрэ омурҕан курдук уһуннук кэтэһиннэрдэ. Кэмниэ-кэнэҕэс чуораанчыгы чылыгыратаннар, Испирдиэн Хабырыыллайабыс ачыкыта килбэчийэн бу тахсан кэллэ. Сэкэни көрбөтөхтүү ааһан иһэн: — Бардыбыт, — быһа баттыырдыы этээт, учууталыскай диэки чикэлдьийэ турда. Сэкэ өйдөөбөтөхтүү далбааран турбахтыы түстэ уонна учуутала ааны аһарыгар ситэн, кэнниттэн тыаһа суох үөмэрдии туттан, сыкырыс гынан кииристэ. Хабыныакка ахсаан учуутала Өлөксөөндүр Ньукулаайабыс остуолга тугу эрэ суруна олорор. Атын учууталлар суохтар. Уруоктарын бүтэрэн киирэ иликтэр быһыылаах. Сэкэ аан аттыгар төбөтүн умса туттан турда. Өлөксөөндүр Ньукулаайабыс Испирдиэн Хабырыыллайабыстыын илии тутуһан дорооболосто. Кэпсэтэр киһитэ суох муучу буолан олорон, Сэкэни, сонун киһини көрсүбүттүү, олорон, хараҕынан тула-мала көрдө уонна: — Хайа, Сэмиэнэп, тоҕо муннугун ыйаатыҥ? Мээнэҕэ умсары көрбөт буолуохтаах этиҥ дии, — оонньуу-күлэ ыйытта. Сэкэ толкуйа отой атыҥҥа. Бэһискэ хос үөрэниэхтээҕин улахан саат-суут курдук ылынан, санаата харыс түһэн, ыйытыыны өйдөөн истибэтэ. Кини оннугар Испирдиэн Хабырыыллайабыс эппиэттиир: — Сэмиэнэп бэһис кылааһын нуучча тылын суруйуутугар туттарыылаах тахсыбыта. Кэмигэр кэлэн туттарбакка, кылааһыгар хаалан сонньуйар, — Сэкэ санаатыгар, олус холкутук, сэтэрээбиттии сэһэргиир. Сэкэ, оҕо санаатыгар, Испирдиэн Хабырыыллайабыс бу орто дойдуга кимтэн ордук муус сүрэхтээх, хабыр киһи суоҕун курдук көһүннэ. Өлөксөөндүр Ньукулаайабыс Сэкэни көмүскэһэрдии: — Сэмиэнэп атын биридимиэттэргэ «түөртэн» итэҕэс үөрэммэт, ордук ахсааҥҥа үчүгэй. Кылааска кимтэн да ордук түргэнник суоттуур. Туочунай наукаларга кэскиллээх киһи тахсар кэриҥнээх. — Нуучча тылыгар ыт да диэни сатаан суруйбат киһи атын биридимиэттэргэ төгүрүччү «биэс» сыанаҕа үөрэммитин иһин салҕыы үөрэнэр кыаҕа суох. Кылааһыгар хаалан, нууччатын тылыгар алҕаһа суох суруйарга үөрэнэн, атын уруоктарыгар өссө чиҥ билиилэнэн эһиил оскуола биир бастыҥ үөрэнээччитэ буолуо. Кэлин миэхэ махтаныа, — Испирдиэн Хабырыыллайабыс Сэкэ туһугар үтүөнү оҥорор курдук этэн, Сэкэни өссө кыынньаан биэрдэ. Хайдах кылааһын хаалларбытын иһин, Испирдиэн Хабырыыллайабыска махтаныан сөбүн, Сэкэ өйүгэр сатаан батарбат. Саха тылын учуутала Биэрэ Бөтүрүөбүнэ киирэн: — Сиэнньэ, тоҕо аан чанчыгын манаатыҥ, — диэн ыйытар. — Ити эйигин күүтэн турар. Күһүҥҥү туттарыытын туттарбакка, бэһис кылааһыгар хос үөрэнэр буолла. Онон кылааскар сурунан кэбис, — диэн Испирдиэн Хабырыыллайабыс Сэкэни ыарахан эппиэттэн быыһаата. Салҕыы: — Саабыс уонна дириэктэр билэллэр. Оҕоҕо үтүөнү баҕарар буоллахха, чиҥ билиилээх буоларын ситиһиллиэхтээх уонна Сэмиэнэп нуучча тылын кыайдаҕына, кэнэҕэс киниэхэ киэҥ суол аһыллыа диирбин кытта сөбүлэспиттэрэ. Биэрэ Бөтүрүөбүнэ Сэкэҕэ уон икки лиистээх икки тэрэрээти уонна харандаас биэрдэ уонна: — Учуобунньук тиийбэт, уларсыһа сылдьан уруоккутун үөрэтэҕит. Эдьийиҥ Балаагыйаҕа олорон үөрэнэр инигин. Чугас олорор Аппанааһыйаба Араппыыналаахтыын үс буолан солбуһа учуобунньуктары туттуоххут. Билигин кылааскар бар. Инники баартаҕа Уйбаныаба Кэтиилиин олороҕун, — диэн кылаас салайааччытын быһыытынан чопчулаан быһаарда. Кылааска инники учуутал остуолун таһынааҕы паартаҕа олоруон баҕалаах аҕыйах буолааччы. Уруок кэмигэр онон-манан дьарыктаммакка, учуутал быһаарарын болҕойон истэр, үчүгэйдик үөрэнэр кыргыттар олорооччулар. Эбэтэр уруоктан аралдьыйан мэниктии, кэпсэтэ олорор «орой мэник» дэнэр уолаттары, харах далыгар киллэрээри, модьуйан туран олордооччулар. Сэкэ ону билэр. Хойутаан кэлэн баран миэстэ талымастана сылдьыа дуо, туох баарынан буоллаҕа. Иккис уруок саҕаланыан иннинэ Сэкэ саҥата-иҥэтэ суох кылааска анаммыт миэстэтигэр киирэн олордо. Кылаас оҕолорун барыларын билэттиир эрээри, хайдах эрэ туора киһинэн сананна. Кылаас оҕолоро даҕаны, кылааһыгар хаалларбыттарын аһынан дуу, бодоруһа илик буолан дуу, чугастаһа сатаабакка, ыраахтан кэтэһэрдии-манаһардыы тутталлар. Ол курдук, үс күн үөрэнэ диэн ааттаан, хаҕа эрэ кылааһыгар сырытта. Үөрэммитэ үһүс киэһэтигэр утуйаары сытан толкуйдаабыт былаанын, төһө да кыбыһыннар, салыннар, өйө-санаата ылыммыт кыһалҕата кыһайан, толорорго сананна. Субуотаҕа уһун биримиэнэ кэнниттэн Сэкэ кылааһыгар киирбэккэ Испирдиэн Хабырыыллайабыс учууталыскайтан тахсарын таҥас ыйыыр сиргэ саһан олорон кэтэстэ. Баҕата, соҕотохтуу, атын учууталлар көрбөттөрүгэр, истибэттэригэр көрдөһөр санаалаах. Айыы Тойон оҕо барахсан бу кэмҥэ туохтан да ордук ис дууһа көрдөһөр баҕатын толорбута дуу, кырдьык, учуутала бүтүгэс киһинэн таҕыста. Сэкэ саспыт сириттэн тахсан, сыбдыйан ситэн кэлэн: — Испирдиэн Хабырыыллайабыс, — диэн ыҥырда. Учуутала соһуйда быһыылаах, хайдах эрэ, дьигис гынан ылла уонна куруутун буоларыныы ачыкыта килэбэчис гыннаран эргилиннэ: — Тоҕо үөрэммэккэ үөмэ сылдьаҕын? — хаҕыстык ыйытта. Сэкэ бэлэмнээбит көрдөһөр тыллара ханна эрэ көтөн хааллылар, туох диэхтээҕин өйдүү охсубакка мух-мах буолла. Кэтэҕин тарбаммахтаан ылла уонна синэ биир диэбиттии: — Баһаалыста, алтыс кылааска үөрэнэрбин көҥүллээриий, — диэн ыган таһаарда уонна ааттаһар киэбинэн өрө көрөн турда. — Ол хайдах көҥүллүүбүн? Барыта быһаарыллан бүппүтэ. Бэһискэ иккис сылгын үөрэнэҕин, — диэт, үөрэ- тиэхтээх кылааһын диэки чикэлдьийэ турда. Сэкэ баар суох алтыһыгар үөрэниэхтээх эрэлэ бүттэҕэ ити. Испирдиэн Хабырыыллайабыс Сэкэни аһына санаабытын иһин, дьылҕата анаан биэрбит олоҕо ылыннарбыт кырдьыктаах диирэ туора-маары халбаҥнаабат хайысха. Олох кыһата толкуйдаах киһини киһи гынар, өйүнэн үчүгэйи-куһаҕаны араҥалаан билэ сатаабакка, олох устар сүүрүгүн хоту устустаххына торуҥ тостон кытыыга чаардыаххын сөп. Ону кини үчүгэйдик билбитэ. Бүгүҥҥэ диэри олорон кэлбит олоҕун кумааҕыга тиһэригэр көтүтэр түгэннэрэ, кэмнэрэ элбэх. Өлөрбүт-өһөрбүт аньыытын кистээри буолбатах, кини туһугар аньыыны оҥорбуттарын хос эргитэн өйүгэр тилиннэриэн баҕарбат.
* * *
Испиирэ диэн дьоно кыра эрдэҕинэ ааттыыллара. Аҕата Хабырылла, ийэтэ Татыйыыс үс оҕолоох сэниэтик олорор ыал этилэр. Улахан уоллара Маппый Испиирэттэн уонча сыл аҕа, кыыстара үс сыл балыс этилэр. Аҕалара сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, эдэригэр киһи үс кырыылааҕа этэ. Кини сүөһү ииттиитинэн дьаныһан дьарыктаммата. Биэс ыанар ынахтаахтара, уонча биэлээх атыыр үөрдээхтэрэ. Дьиэ уонна сүөһү үлэтин көрдөрөргө Боппуоктар диэн чороччу улаатан эрэр уоллаах кэргэннии үлэһиттэрдээхтэрэ. Кинилэр Хабырыллалаах тиэргэннэригэр туспа дьиэҕэ олороллоро. Бүөтүр дьиэ таһынааҕы үлэни дьаһайа-дьаһайа сылгыһыттыыра. Ийэлэрэ Аана хотон көрөрө. Хабырылла атыыһыт буолан кыһыҥҥы өттүгэр элбэхтик барара-кэлэрэ. Кини ыаллартан эт-арыы, түүлээх хомуйан илдьэн киэҥ сирдэргэ атыылыыра, төннөрүгэр чэй-табах, мал-сал, таҥас-сап аҕалара. Онон Хабырылла олохтоохторго таҥара курдук көрүллэрэ. Хабырылла суруйар-ааҕар, нууччалыы да наадатын кэпсэтэр, ырааҕынан, элбэх киһилээх-сүөһүлээх сиринэн тэлэһийэ сылдьар буолан, үлэһит дьон өрөбөлүүссүйэ оҥорон ыраахтааҕы былааһын суулларан, саҥа норуот былааһын олохтообуттарын билэ-көрө сылдьара. Кини онно улаханнык кыһаммата, ханнык да былаас буоллун, дьон-сэргэ аһыыра-таҥнара тохтообот, эргинэри бобуохтара суоҕа диэн эрэх-турах сананара. Бар дьону баттаан, көлөһүннээн сии олорор тойоттор былаастарын сууллардыбыт уонна кинилэри суох оҥоробут диэн быһааралларыгар эмиэ холкутук сыһыаннаһар. Кини кими да баттаабатаҕа, албыннаабатаҕа, хомуйбутун уонна аҕалбытын, атаҕым соболоҥо диэн, сыанатын үрдэтэн атыылыыра. Онтун дьону көлөһүннээһин буолбатах диэн толкуйдуур. Сааһыран айаны тулуйбат буолан, уола Маппый эргитэн аҕалбытын үлэспиттэргэ тириэрдэр, ордугун атастаһыы кэриҥинэн атыылаан, уолугар аныгыскы сырыытын таһаҕаһын бэлэмнииринэн дьарыктаммыта. Улуус киинигэр кулубаны, нэһилиэктэргэ кинээстэри уураталаабыттарын, ревкомнар тэриллибиттэрин, баайдаахтар былаастарын көмүскэһэн, дьон хомунан саҥа былааһы утары сэриилэһэн эрэллэрин, ыраах тыа нэһилиэгин дьоно сураҕын эрэ истэн билэ олорбуттара. Ыһыах эрэ иннинэ, күнүскү ыам ааспытын кэннэ хамыһаардар кэлэннэр Хаанньалба Дьөгүөрдээх тиэргэннэригэр тохтообуттар, ыҥыыр атынан сылдьаллар, бэһиэлэр, биир сахалыы саҥарар киһилээхтэр үһү диэн сонун бөһүөлэги тилийэ көппүтэ. Ыйыталаһан ону-маны билииһибит диэн үгүстэр үөрэ истибиттэрэ. Сонун дьону көрө, чугас эргиннээҕи оҕо аймах Хаанньалба тиэргэнин үс сиэрдийэлээх эргэ эргиир күрүөтүн бытырыыстыы көрөр харах, истэр кулгаах буолан турбуттара. Бэйэ бэйэлэрин кытта ботугураһан, ким тугу урут бэлиэтии көрбүтүн үллэстэ охсоллоро. Кинилэр көрдөхтөрүнэ барыта дьикти, бөһүөлэккэ кимиэхэ да суох таҥастаахтара. Барыларыттан улаханнара, үөскүлэҥнэрэ, муннун аннынан уонна баттаҕыттан силбэһи, чанчыгыттан чанчыгар диэри көмүстүйэн көстөр хойуу бытыктаахтара тойонноро быһыылааҕа. Мааныга, ыһыахха кэтиллэр хоргунунан уҥунуохтаммыт саары этэрбэс курдук килэбэчиҥниир ыстааннааҕа уонна оннук даба соннооҕо. Ыстаана дьикти этэ. Сонун тэллэҕиттэн саҕалаан сараҕар кулгаах курдук култайан тахсара, салҕыы тобугун үрдүнэн кыараан саппыкытын айаҕар диэри атаҕын чыппаччы тутара. Сонун биилинэн ыга тардыммыт кэтит кура синньигэс курдарынан кириэс-мараас, лээмпилии санныгар сүктэриллэ сылдьара. Ону таһынан уҥа санныттан кириэстии, эмиэ тирии курга, балык хатырыгыныы кылабачыгас уктаах сиргэ тиийэ сыһар уһун кыыннаах, ким эрэ сипсийэн этэ охсубутунан, саабыла ыйана сылдьара. Хаҥас өттүгэр туос хаалаах сүгэччэ курдук тэрил ыйанан, илин-кэлин охсуоланан биэтэҥэлиирэ. Төбөтүгэр сонун курдук килбэҥниир хара хортууһун куондарын үрдүнэн, сүүһүн ортотун туһунан, кыһыл сулустааҕа. Кинини кытта тэҥҥэ сылдьан, илэ-мала түһэр, хатыҥыр, туора хара бытыктаах киһи оруобуна тойонун курдук таҥастааҕа, саабылалааҕа, биэтэҥэлиир тэриллээҕэ. Үстэрэ уһун суппуун соннорун биилэринэн кэтит курунан ыга тардыммыт этилэр. Ураһа курдук дьөрөгөр, уһун сыҥаахтара салыбырыы сылдьар, сүүстэрин саба түспүт куондар дуомнаах, ол үрдүнэн улахан кыһыл сулустаах бэргэһэлээхтэрэ. Саабылаларын таһынан, уһуктаах тимир үтэһэлээх саалаахтара. Сыныйан көрбүт оҕолор кэпсээннэрэ итинник этэ. Икки тирии сонноох хамыһаардар балаҕаҥҥа киирэннэр, Хаанньалбаны остуолга эйэ дэмнээхтик олордон, бөһүөлэккэ олорор баай ыаллары ыйдарбыттара. Хаанньалба туох сыаллаах-соруктаах кэлэ сылдьар хамыһаардарын хантан билиэ баарай. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, түөрт сэниэтик олорор ыалы ааттаталаан биэрбитэ. Акаары да киһи мумматын курдук, олорор тиэргэннэрин төһө сатыырынан уустаан-ураннаан ойуулаан ыйбыта. Кэлээччилэр дьадаҥы киһи олорор тиэргэнин бэлиэтии көрөн, баайдары утары санаалаах буолуохтаах диэн сэрэйэн, Хаанньалбалаах тиэргэннэригэр тохтообуттара. Аан маҥнай чугастыы Хабырыллалаахха, суһал сырыыга сылдьалларын көрдөрөөрү дуу, суостарын-суодалларын биллэрээри дуу, сүөһү тэпсэн бытархай киилээх буорунан көрө сытар бөһүөлэк суолун быылын өрө бурҕачытан, туос бөтөрөҥүнэн астаран тиийбиттэрэ. Аттарыттан ыстаҥалаһан түһээт, ампаардыы охсон тутуулаах саҥатык дьиэҕэ кутуллан киирбиттэрэ. Киирээт сахалыы билээччилэрэ тойоннорун кутуруксута, харатыҥы хааннаах эрээри нууччалыы дьүһүннээх киһилэрэ: — Ыаллар, сэһэҥҥит? — олуттаҕаһа суохтук саҥаран, сахалыы сиэринэн эҕэрдэлэспитэ. Дьиэҕэ Хабырылла кэргэниниин иккиэйэхтэрэ. Маппый айаҥҥа сылдьар кэмэ этэ. Испиирэ ойоҕунуун күнүскү чэй кэнниттэн оскуола диэн ааттыыр оҕолору үөрэтэр дьиэлэригэр барбыт кэмнэрэ этэ. — Кэпсэл суох, таһыттан киирбит дьоҥҥо кэпсээн диэн эһиэхэ буоллаҕа, — дьиэлээх күө-дьаа буолла уонна нууччалыы билэрин биллэрээри эбитэ дуу: — Обедать будете, с дороги проголодались наверно, — эбэн эттэ. Тойоно: — Будем, будем. Богатый обед никогда не мешает, — хортууһун устан көкөҕө ыйыы бырахта уонна остуолга олорунан кэбистэ. Атыттара тас таҥастарын устаары сахсаҥнаһан барбыттарыгар: — Не раздевайтесь, долго не будем, — быһа-бааччы этэн кэбистэ. Ыалдьыттара ыксыылларын өйдөөн, Хабырылла эмээхсинигэр көмөлөһөн дьиэтин оҥкучаҕын үрдүкү долбууруттан төҥкөйөн буспут эт, арыы, алаадьы таһааран остуолга уурда. Эти көрөөт тойон итэҕэллээх киһитэ: — Сылгы этэ буолбатах ини? — ыйыта оҕуста. — Бүгүһүн идэһэлэммит тиҥэһэ кунаным этэ. Ыһыахха анаан биэ тутта иликпит, — Хабырылла саҥа былаас дьоннорун санааларын табаары ыһыахха биэ туттуохтааҕын кытта быктарда. Татыйыыс сылабаарын оргутаары уутун саамылаан мучумааннаһарын көрөн: — Оргута сатаама, үүттэ кутаттаа, — диэн тойон көмөлөһөөччүтэ соруйда. Хабырылла оҥкучаҕар киирэн үүт таһааран кутаттаан ыалдьыттарын аһаталаата. Тойонноро соччо аһаабат, саллааттара эт сиэн хабыаланыы бөҕө. Тойонноро аһаан бүппүтүн биллэрэн дьонугар: — Хватить жрать! — дьиэлээххэ манна муҥур тойон мин диэн өйдөтөрдүү дорҕоонноохтук саҥарда. Көмөлөһөөччүтүн сүүһүн аннынан көрөн олорон: — Давай, начинай, — диэн тимир-тамыр куолаһынан соруйда. Көмөлөһөөччүтэ сорудаҕы эрэ күүтэн олорбут буолан, Хабырыллаҕа олох маһын чугаһата сыҕарытта: — Хабырылла Борокуоппайабыс, саҥа былааска элбэх көмүс наада. Дьэ онон үрүҥ, кыһыл көмүс оҥоһуктарда, манньыаттарынан харчыгын, ойоҕуҥ симэхтэрин биэрэн, норуот былааһын өйөс, — сымнаҕас куолаһынан көрдөһөрдүү нылҕаарытан саҕалаата. — Үлэһит дьон былааһын өйөөн бөҕө буоллаҕа даҕаны, көмүһүнэн үлүһүйбэтэх баҕайым, — Хабырылла буруйдаммыттыы сир диэки көрөн олордо. Ити кини кырдьыга. Дьиҥинэн, бу дьон «хамыһаардар» диэн олохтоохтор итэҕэллэригэр киирэр, дьиҥнээх сирэйдэрин саптынар ааттара. Кинилэри ханнык да былаас нэһилиэнньэттэн көмүстэ хомуйуҥ диэн сорудахтаан, тэрийэн ыыппатах дьоно. Өрөбөлүүссүйэ дьалхаанын кэнниттэн сэбиэттэр былаастара олохтонон, ситэ күүһүн ыла илик кэминэн туһанан, түөлбэлэри кэрийэн, баайдартан уонна сэниэтик олорор ыаллартан көмүстэрин былдьаан туһанар соруктаах ороспуонньуктар баандалара. Өссө чопчулаан кэпсээтэххэ, тойонноро Баранов диэн ыраахтааҕы да былааһын саҕана ороспуойдааһын хараҥа дьыалатынан дьарыгыран Иркутскай түрмэтин олохтооҕун кэриэтэ киһи. Саҥа былаас түрмэттэн босхолообутун кэнниттэн, туох да үлэтэ-дьарыга суох куорат ырыынактарын, хабаактарын кэрийэн сылдьыбыта. Өр буолбатаҕа, көрдөөбүт сыыһы булар диэбиккэ дылы, куорат илэчиискэтэ Бутууһаптыын билсибитэ. Бутууһабы кытта билсиэҕиттэн, Саха Сирин баайдарын халыыр өй арахпакка аалан, банда тэринэн, көччүйэн кэлэргэ быһаарыммыта. Ол төрүөтүнэн Бутуусап Дьокуускай тыатыгар төрөөбүтэ уонна уһун кэмҥэ олорон Саха сирин үчүгэйдик билэрэ, сахалыы саҥарар буолбута. Баранов саҥа атаһа өрөбөлүүссүйэ эрэ иннигэр Иркутскайга үөрэнэ диэн ааттаан тиийбит эрээри, үөрэммэккэ ускул-тэскил сылдьар, күннээҕинэн олорор, дөрөтүн сөрөммүт киһитин билбитэ. Кини Баранов кыттыһан сылдьарга этиитин үөрүүнэн ылыммыта. Баанда саллааттара Барановы кытта бииргэ түрмэттэн босхоломмут, кини сорудаҕынан сылдьар, бүк бас бэриммит хаайыы дьоно этилэр. Кинилэр уорууну-түөкүннээһини эрэ үчүгэйдик баһылаабыт, үөрэҕэ суох да буоллаллар өрөбөлүүссүйэ саллааттарын оруолун сатаан толороллоро. Бутууһап куолаһа чиҥээн барда: — Сымыйалыы олороҕун, атыыһыт ааттаах киһи үйэлээҕи хаһаамматах буолуоххун сатаммат. Дьыаланы дириҥэппэккэ, көҥүл өттүгүнэн ууран кулу. Саҥа былаас өстөөхтөрүн олус ньыраҥнаппат сокуоннаах. — Тугу кистиэхпиний? Ити эмээхсиним үрүҥ көмүс салыбырас ытарҕалаах уонна бэргэһэлэммит биһилэхтээх. Ыһыахха, мааныга кэтэр илин, кэлин кэбиһэрдээх. Мин туттар ыҥыырым, хопто сыарҕам дуҕата үрүҥ көмүс киэргэллээхтэр, онтон атыммыт суох, — Хабырылла ыал тута сылдьар тэриллэрин кытта халыылларын сэрэйбэккэ, ырааһынан кэпсээн биэрдэ. — Маҥнай атыҥ тэриллэрин киллэрэн көрдөртөө, — Бутууһап булгуччу толоруллардыы чиҥник саҥарда. Хабырылла дьиэтин утары турар атахтаах ампаарын күлүүһүн тылын көрдөөн хаҥас диэки, халааҥкы оһохтон салҕыы барар быыс кэннигэр тугу эрэ хасыһан букунаста. — Чэ, түргэнник, ыксыыбыт, сылдьар сир элбэх, — Бутууһап ыксата турда. Хабырылла айаҥҥа сылдьан араас быһылааннарга түбэһитэлээбит, дьоҥҥо атаҕастаппатах, утарсарга утары, киирсэргэ киирсэр эдэригэр тэтиэнэх үөскүлэҥ киһи этэ. Сааһырдар да бэйэтигэр син эрэнэр уонна кыра-хара норуоту өйүүр былаас дьоно сиэри-майгыны тутуһар инилэр дии саныыр. Бутууһап төһө да куолаһын соноттор олус ыксаабат, уолуйбат. Хабырылла күлүүһүн тылын булан, салыбыраппытынан чиҥ-чиҥник үктэтэлээн тахсан барда. Кэнниттэн, тойонноруттан ураты, торбуйахтар аһатааччыларын тилэх үктүүллэрин курдук, батыһан суксурустулар. Ампаар устата-туората алта да алта хаамыы эрээри, киһи суратынан үрдүктээх сэргэлии моойдоммут атахха турар буолан багдайан, дьиэтээҕэр улахан көрүҥнэнэн көстөр. Аан истиэнэтин устатын тухары, ону-маны аҕалан ууран эрэргэ аналлаах икки атыл кэтиттээх долбуур муосталаах. Хабырылла аанын аспытыгар Бутууһап дьонунуун киирэн чинчийэн көрдүлэр. Ыйанан турар кыһыҥҥы таҥастары көрө барбатылар. Муостаҕа турар мас хара сундуукка харахтара хатанна. — Сундууккун ас эрэ, — Бутууһап соруйда. Хабырылла элбэх күлүүс тылларыттан чопчу булан, саҥата суох аһан биэрдэ. Бутууһап сундуук иһин дьаныһан хаһыста, санаатыгар көмүс иһит-хомуос хараллан сытарын булуон баҕарар. Көрдүүрэ суоҕун өйдөөн сапсыйан кэбистэ. Ороспуойдар дьааһык иһин көрөөрү өҥөҥнөспүттэрин үтүрүйтэлээн баран, Хабырылла дьоһумсуйа туттан, аа-дьуо хаппаҕын хатаата. Бутууһап ону сөбүлүү көрбөтө: — Хамсаан ис, отуо … — дьыаланы хамандыырын этиэн иннинэ эрдэлэппэт санааттан быһыылаах, кэнники тылын ситэри эппэтэ. Хабырылла аан иннинээҕи долбуур-үктэлгэ ыҥыырдаах дуҕатын ороспуойдар иннилэригэр уурда. Бутууһап киҥэ-наара холлон, улам хаана оонньоон эрэрэ сирэйиттэн-хараҕыттан көстөр: — Хамыһаарга көрдөрө дьиэҕэ киллэр, кини быһаарыа, — диэн кини кыра киһитин билинэрдии сохсоллон турда. Хабырылла сааһырдар да ситэ иинэ илик кэтит, киппэ көхсүн хаҥас санныгар дуҕатын сүгэ быраҕан, ыҥыырын кыбынан дьиэтигэр киирэн тойон иннигэр оргууй уурталаата. Баанда тойоно бэйэтин «Баранов комиссарбын» диэн ааттанар. Дьиҥнээх аата буолара дуу, олохтоохтор итэҕэллэригэр киирээри, кыра-хара дьоҥҥо бэриллэр араспаанньатынан хос ааттанара дуу. Дьоҥҥо-сэргэҕэ ааттарын-суолларын соччо-бачча билиннэрэ сатаабат түөкүн дьон, бэйэлэрин туора киһи өйдөөбөтүнэн судургутук ыҥырсан кэпсэтэллэр. Тойонноро өйөнөрдөөх олоппоско уҥа харытын остуолга ууран, чоноччу туттан олорон соруйда: — Покажи поближе. Бутууһап хап-сабар бастаан дуҕаны, онтон ыҥыыры ылаттаан тойонун иннигэр эргичиҥнэтэлээтэ. Баранов ыйааһыннаах тойонун биллэрээри буолуо, быһыта баттаан, кытаанахтык соруйардыы саҥаран: — Колокольчики и другие золотые прибамбасы забирать. Трошка, забери седло, заменяй свое старое. Украшения сними, зачем солдату комиссара боярские излишки. Барыларыгар туһаайан: — Сперва добровольное пожертвование, после действуйте, — Баранов тугу этэрин дьоно өйдүүллэр, хас итинник сорудах ылбыттарын ааҕа өйдөөбөттөр даҕаны. — Хабырылла Бөтүрүөбүс, көмүстэргин аҕалтаа, — Бутууһап сымнаабыт куолаһынан. — Көмүс баайа суох киһибин эппитим дии, — сөбүлээбэтэхтии хардарда. — Ойоҕум киэргэллэрдээх диэбитиҥ дии. — Ол хайдах кэтэ сылдьар тэриллэрин сиэртибэҕэ биэриэхпитий? — Хабырылла иннигэр кимнээх туралларын ситэ өйдөөбөккө, сиэри тутуһардыы эттэ. — Көр! Баттыгастаах баай! Үтүөнэн бэриллибэти маннык ылыллар, — кэпсэтиигэ кыттыспакка туораттан кэтээн көрө турбут дьиэлээх хотуҥҥа такыаланан тиийэн ытарҕаларын тоҕута тардан ылла. Дьиэ иһин Татыйыыс сарылыыра аймаата. Ону ол диэбэккэ, Бутууһап кэтэ сылдьар биһилэҕин ньылбы тарда сатыы турдаҕына, Хабырылла санныттан күүскэ эргилиннэрэ тарта. Ону эрэ кэтэһэн турбуттуу, Трошка диэн ааттаабыт ороспуойа саа луоһунан нөрүөҥҥэ сайда. Хабырылла өйүн сүтэрэн, нукус гынан охтон түстэ. Икки ороспуойдар, аска тииһинээри ыксаабыттыы, охто сытар киһини: — Вот тебе, эксплуататор, — дии-диилэр тэбиэлээн биллиргэттилэр. — Хватит, убьете, — диэн тойонноро баһыгыраабытыгар тэбэн испит атахтарын аара тохтоттулар. Татыйыыс иэдээн буолан эрэрин сэрэйэн, тылынан тарбаҕын силимэтээн, биһилэҕин уста охсон остуолга уурда. — Хайа, мааныга кэтэр киэргэллэриҥ? — Бутууһап эҕэлээхтик ыйытар. — Сип-сибигин, — диэт, утуйар хосторун диэки бэйбэрийдэ. Сундуугун аһан хасыһа сатыы турдаҕына, төрөл ороспуой кэлэн, оҥкумалыттан ылан киэр садьыйда. Татыйыыс сүһүөҕүн сүтэрэн, тэмтэрийэн охтон, быыска кэтэҕинэн саалынна. Ороспуой бэйэтэ сундуукка угуллубут маллары, таҥастары хостотолоон таһааран, тэлимнэтэн көрө-көрө туора илгитэлиир. Дьахтар илин-кэлин кэбиһэриттэн ураты, үрүҥ көмүс киэргэллээх эр киһи курун булла уонна: — Гад, спрятал свое золото, — өйүн-төйүн саҥардыы булан эрэр Хабырылланы тэбиэлээн барда. — Аккуратно работай, дурак, — тойонноро өй угардыы тэбиэлээччини сэрэттэ. Сэрэйдэххэ, сирэйин-хараҕын сэрэн диэтэҕэ. Ороспуойдар кыылларын киллэрэн, киһини ханна-туохха тэбэллэрин-охсоллорун араарбакка түһүөлэнэллэрин билэн, тойонноро сэрэтэр буолуохтаах. Баранов үлтү кырбатан, тордорун тоһутан, өлбөт эрэ туһуттан туохтарын барытын туран биэрэллэрин ситиһэр эрээри, кырбанааччылар көстөр сирдэрин көҕөртөрбөт, бааһыртарбат мэктиэлээх. Татыйыыс, ыраас куттаах-сүрдээх саха далбар хотунунан санана сылдьыбыт бэйэтэ, өй мэйдээх тулуйбатыныы сарылыы-сарылыы, Бутууһап иннигэр тобуктаан туран: — Көмүспүт суо-уох ээ, суо-уох, ааттаһабыы-ыын, ааттаһабыы-ыын. — Заткни же бабу, в душе тошно стало, — тойонноро бардьыгыныыр. Бутууһап тимир тилэхтээх саппыкылаах атаҕынан түөһүттэн түҥнэри тэбэн кэбистэ. Татыйыыс эрэйдээх өйүн сүтэрэн, дьэ, ньим барда. — Женщина наверняка не знает, где спрятано золото. Подождите, пусть хозяин придет в себя. Сам укажет, где спятано золото, — Баранов дьонун өйдөтөрдүү дьаһайда. Ороспуойдар Хабырылланы суккуруур тыыннаах ордуор диэри үлтү тэпсэн, ыххайан кистээбит диир көмүстэрин ыйдарбатахтара, дьэҥдьийэн булбатахтара. Суох хантан, хайдах көстөн кэлиэҕэй. Хабырылланы илиититтэн-атаҕыттан ылан, утуйар хаппахчыларыгар киллэрэн оронугар бырахпыттара. Татыйыыс үйэтигэр киһини сутуругунан да охсору көрбөтөх эрэйдээх, оҕонньорун, сааһырбыт киһини ити курдук ибили тэбиэлээһинтэн уйулҕата хамсаан, кута куоппута быһыылааҕа. Таҥараҕа үҥэрдии оһоҕун өрө мыҥаан олорон, онолуйа хаалбыта. Ороспуойдар бэлэм баайтан тииһинээри, суоһардык ыалдьыттаан, Хабырыллалааҕы киһи аатыттан аһаран, туох да буолбатаҕыныы тахсан барбыттара. Аньыыны эрэ оҥорбот туһугар үҥэр Таҥараларыттан, сирдэриттэн-уоттарыттан сирдэриттэн-уоттарыттан көрдөһөн-ааттаһан эйэ дэмнээх олохтоох саха дьонун баайдарын халыыр, өйдөрүн-санааларын бүдүгүрдэр дьайыыларын салҕыы аттарын үрдүгэр түһэн тибилиннэрэ турбуттара. Иккис ыалдьыттаабыт ыалларынан Тэрэнтэй баай буолбута. Тэрэнтэй сайылыкка көспүт ыанньыгын үлэһиттэригэр барбыт кэмэ этэ. Бэйэлэрэ субу көһүөхтээх этилэр. Марыына соҕотоҕун дьиэтигэр баара. Сүрүн соруктарын толорон, кыһыл, үрүҥ көмүс оҥоһуктары хомуйбуттара. Хаһаанылла сытар көмүс манньыатынан үбү булбатахтара. Киһилээх-сүөһүлээх, эргитиилээх-урбатыылаах киэҥ сирдэртэн тэйиччи олорор саха баай дьоно көмүһү хараҥа күүстэр арыалдьыттара диэн, мунньарынан, хаһаанарынан олус үлүһүйбэттэрэ. Марыынаны хайдах дьаабылаабыттарын, сордообуттарын дьон соччо билбэт. Баралларыгар Марыынаны тиэргэннэригэр үүнэн турар сүүнэ тиит анныгар кымырдаҕас оргулугар сыалдьатын устан, олордон баран илиитин кэдэрги тииккэ кэлгийбиттэрэ. Барбыттарын кэннэ ыаллара босхолообуттара. Марыына эппэт кэлэҕэй, тыастан сарылыы сылдьар өмүрэх буолан өр орто дойдуга олорботоҕо. Сылтан эрэ ордоохтообута. Тэрэнтэй алта уончатын ааспыт аҕам киһи саҥа былааһы утары саа тутан, буулдьаҕа табыллан өлөн түһүөр диэри дойдубун, дьоммун-сэргэбин хааннаах былаастан көмүскүүбүн диэн ааттаан хабырдык сэриилэспитэ. Хаанньалба, «хамыһаардар» Хабырыллалаахха хайдах ыалдьыттаабыттарын истэн, улахан алҕаһы оҥорбутун өйдөөн, сайылыкка көспүт ыалларыгар, Ыстапааннаах Сөдүөккэ, улахан уолугар ыҥыырдаах ат биэрэн, сэрэтэр илдьит ыыппыта. «Хамыһаардар» төннөн кэлэн Хаанньалбаны сайылыктарга баралларыгар сирдьит гынаары, Тэрэнтэй баай ыһыахха сүүрдээри баайар биэтин ылбыттара. Бастакы сайылыктарыгар Лооһор Сөдүөт олороро. Тиийбиттэрэ — үлэһиттэрэ эрэ бааллара. Тойонноро ойоҕунуун сарсыардаттан икки атынан ханна эрэ барбыттара, ханнатын билбэппит диэн буолбут. Иккис сайылыктара Чэкэлик Ыстапаан олоҕо. «Хамыһаардар» ыалдьыттыыр ыалларыгар чугаһаатылар эрэ аттарын маах бөтөрүнэн түһэрэллэрин Хаанньалба бэлиэтии көрдө. Киһиргээн дьаабыланаллара дуу, суос бэринэллэрэ дуу, кини ону билбэт. Чэкэлик нэһилиэккэ атаҕынан лаппа кыанар киһинэн биллэрэ. Кыанарыгар эрэммитэ дуу, ыалдьыттара далын ааныгар астарыахтарыгар диэри көрөн турбута, онтон тэһэ астарбыттыы түөртээх күрүөтүн үрдүнэн дэгэс гынан ааһаат, ойуур иһигэр киирэн сүтэн хаалбыта. Бутууһап сырыһыннарыах курдук атын чолоҥолоппутугар Хаанньалба: — Сырсан киһи сиппэт киһитэ, аакка кыанар Чэкэлик Ыстапаан диэн, — Хаанньалба истэллэрин курдук быһааран биэрэрдии эттэ. — Түөкүн, сэрэтэлээбиккин быһыылаах, — Бутууһап кыдьырынна. Имнэнэн соруйбута дуу, чугас турар аттаах ороспуой саатын маһынан Хаанньалбаны санныга саайбыта — атыттан сиргэ таралыйда. Ата, сиргэнэн өрө тэбээт, кэлбит сирин диэки түһэ турда. Хаанньалба дөйөн сыппыта дуу, кубулуммута дуу, хамсаабакка сытта. Ороспуойдар аттарын төттөрү эргитэ тутаат, тамайар сэлиинэн бара турбуттара. Хабырылла улахан уола бөһүөлэккэ суоҕа. Ыһыахтар иннинэ, чугас эргин нэһилиэктэри кэрийэн эргинэ сылдьара. Дьонун кытта дьукаах олорор Испиирэ кэргэниниин, үөрэх сыла түмүктэнэн оскуолаларын малын-салын сааһылаан, сайынын иччитэх хатанан турарыгар бэлэмнии сылдьыбыттара. Хабырылла үс оҕотун Иркутскай куоракка ыыталаан үөрэттэрбитэ. Онно бииргэ төрөөбүт балта эмиэ үөрэнэ сылдьан таҥара үөрэхтээх киһиэхэ эргэ тахсыбыта. Оҕолор кинилэргэ олорон үөрэммиттэрэ. Харыйалаахха кинээс көҕүлээһининэн, баай ыаллар кыттыһан таҥара дьиэтин туттарбыттарыгар Хабырыллалаах күтүөттэрэ епархияттан анатан кэлэн аҕабыыттаабыта. Өрөбөлүүссүйэ буолан таҥара дьиэлэрин сапталыыр сурахтарын истээт, Иннэкиэнтий аҕабыыт ойоҕун, уоллаах кыыһын илдьэ дойдутугар Иркутскайга көспүтэ. Хабырылла бииргэ үөрэммит кыыһын Машаны ойох ылан, Харыйалааҕар учууталлыы кэлбиттэрэ. Маша биир сылы кыайбатынан сахалыы тото кэпсэтэр буолан, бөһүөлэккэ бэйэ киһитинэн ааҕыллыбыта. Икки кыыс оҕоломмуттара. Эбэлэрэ Татыйыыс көрөн-харайан улаатыннартаабыта. Харыйалаах аллараа сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, салҕыы үөрэнэ ийэлэрин дьонугар барбыттара. Испиирэлээх дьиэҕэ киирэн ийэлэрэ баттаҕа ыһыллан, сирэйэ кубарыччы баран, иччитэ суоҕунан көрөн, онолуйа олорорун көрбүттэрэ. Туох буолбутун ыйыталаһа сатаабыттара да, саҥардылар диэн эргиллэн кэпсэтэр кыаҕыттан ааспыт турукка олорорун өйдөөбүттэрэ. Аҕалара хаппахчыга ынчыктыырын истэн киирбиттэрэ, хос иһэ ыһыллан, оргулланан, ону доҕуһуоллаан Татыйыыс ытыыр, мэнэрийэр икки ардынан эгэлгэтэ өйдөөн иһиллибэт иэйиитэ-куойуута доҕуһуоллаан киһи баттаҕа турар, этэ тардыалыыр нүһэр көстүүтэ этэ. Аҕатыттан төҥкөйөн туран, тоҕо эрэ сибигинэйэн, туох быһылаана буолбутун ыйыппытыгар Хабырылла ис-иһиттэн эҥтэрэн ынчыктыырын быыһыгар быһыта-орута саҥа былаас хамыһаардара көмүс көрдөөн, кистээбитиҥ буолуо диэн ону эттэрэ сатаан кэбилээбиттэрин кэпсээтэ. Түмүгэр: — Тоҕойуом, сатамматах былаас кэлбит, — хараҕын уута хачылыйан тахсан, иэдэһинэн сүүрэн сыттыгар «топ» гына таммалыы сыппыта. Хабырылла оронуттан турбакка от үлэтэ бүтүүтэ быстыбыта. Татыйыыс өйө хамсаабыта көммөккө оҕонньоруттан биир ый хаалан бараахтаабыта. Испиирэлээх Маша уонна Маппый ойоҕо Суоппуйалыын үс буолан дьоннорун тиһэх күннэригэр диэри ыарыылаан, көрөн-харайан муҥнарын-таҥнарын тэҥҥэ үлэстибиттэрэ. Маппый дьонноро суох буолбуттарын кэннэ кыстыкка киирии саҕана ханна эрэ баран хаалбыта. Кэлин биллибитинэн, үрүҥнэр этэрээттэрин булан, Сэбиэттэр былаастарын, бассабыыктары утары иллэспэт өс-саас санаалаах сэриилэспитэ. хамыһаардара көмүс көрдөөн, кистээбитиҥ буолуо диэн ону эттэрэ сатаан кэбилээбиттэрин кэпсээтэ. Түмүгэр: — Тоҕойуом, сатамматах былаас кэлбит, — хараҕын уута хачылыйан тахсан, иэдэһинэн сүүрэн сыттыгар «топ» гына таммалыы сыппыта. Хабырылла оронуттан турбакка от үлэтэ бүтүүтэ быстыбыта. Татыйыыс өйө хамсаабыта көммөккө оҕонньоруттан биир ый хаалан бараахтаабыта. Испиирэлээх Маша уонна Маппый ойоҕо Суоппуйалыын үс буолан дьоннорун тиһэх күннэригэр диэри ыарыылаан, көрөн-харайан муҥнарын-таҥнарын тэҥҥэ үлэстибиттэрэ. Маппый дьонноро суох буолбуттарын кэннэ кыстыкка киирии саҕана ханна эрэ баран хаалбыта. Кэлин биллибитинэн, үрүҥнэр этэрээттэрин булан, Сэбиэттэр былаастарын, бассабыыктары утары иллэспэт өс-саас санаалаах сэриилэспитэ. Испиирэлээх дьоннорун солбуйан хаһаайыстыбаларын көрө хаалбыттара. Уһаан эйэ дэмнээхтик олорботохторо. Сааһыары, биир үтүө күн Харыйалаахха үрүҥнэр этэрээттэрэ аараабыта. Хамандыырдара ыстаабын кытта Испиирэлээххэ тохтообуттара. Нэһилиэккэ Иннэкиэнтий аҕабыыттыын Испиирэлээх ону-маны билэр, сайдыылаах дьонунан ааҕыллаллара. Ол сураҕынан сирдэттэхтэрэ. Кэллэхтэрин сарсыныгар сарсыарда хамандыырдара дьоннорун барыларын дьиэттэн таһаартаан баран Испиирэны ыҥыран ылбыта: — Испирдиэн Хабырыыллайабыс, Баранов ороспуой баанда тэринэн көмүс халыы кэрийэн ааспытын истибитим. Эн төрөппүттэргин соторулаппыттарын эмиэ билэбин. Бассабыыктар дьон баайын былдьаан уопсай бас билии оҥорор бэлиитикэлээхтэр. Ис-иһигэр киирдэххэ, ороспуой Барановтан атыннара суох. Баранов халаан бэйэтин харамаанын хаҥатар, бассабыыктар норуот уопсай баайа оҥоробут дэһэллэр. Күүс өттүнэн бэлэм баайы былдьыыллара үкчү атылыылар. Халабырдаах былааһы утаран этэрээт тэринэн утарсабын. Эн халабырдьыттартан эмсэҕэлээбит киһи биһигини өйүөхтээххин, көмөлөһүөхтээххин. Ону ааһан, бэйэҕин ыстааппар учуотчутсуруксутунан ылабын. Этэрээт аһын-таҥаһын, сэбин-сэбиргэлин төһөтүн-хаччатын бэлиэтээн иһэри таһынан, көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччүлэргэ ылбыппытыгар араспыыска биэрэн иһэрбит сөп. Кыайдахпытына ким төһөнү көмөлөспүтүн учуоттуохпут этэ. Аккаастаммаккын. Хомуурга түбэстим диэн толкуйдаа, — хамандыыр, бэйэтин дьон баайын көмүскэһэр, кырдьыктаах дьыала иһин охсуһар киһинэн этэн таһаарда. Испиирэ үрүҥнэргэ да, кыһылларга да кыттыһыан баҕарбат. Күтүөтэ Иннэкиэнтий этэринэн, киһи олоҕо таҥаранан бэриллэр үһү. Өлөрсүүлээх сэриигэ кыттарын аньыынан ааҕан, баҕар, сөбүлэһэн дойдубар хаалларыа диэн: — Үйэбэр саанан ытан көрбөтөх киһибин уонна хайдах киһини өлөрүөххэ сөбүн өйүм хоппот. Оҕолору үтүөҕэ үөрэтэр учууталбын, онон сэрииһит буолар кыаҕым суох, — Испиирэ аккаастанан көрдө. — Киһи үөрэммэтэҕэ, оҥорботоҕо суох. Мин эйигин ытыалаһыыга киирэр саллаат оҥорбоппун, ыстаап үлэһитинэн, этэрээт хаһаайыстыбатын бэрийээччинэн ылабын. Ол аата этэрээти хааччыйыыга солбуйааччым буолаҕын. Тыын тыыҥҥа, хаан хааҥҥа дэһэр кэмҥэ эн баҕараргын-баҕарбаккын ыйытыа суохха сөп. Тэрин, барсаҕын. — Кэргэммин, Машабын ханна гынабын? Манна атын киһи буоллаҕа, — Испиирэ баар-суох хаалыахтаах сылтаҕын эттэ. — Кыра оҕо буолбатах, олоруо, эбэтэр дойдулаах киһи дойдутун булуо. Этэрээккэ бааһырбыттары эмтииргэ-томтуурга дьахтар илиитэ баара куһаҕаны оҥоруо суоҕа, — ыалдьыта үөһүгэр киирэн ойоҕун, Машатын этэрээккэ ылар санаатын эппитигэр Испиирэ ыксаата. — Ойоҕум дьиэни-уоту, сүөһүнү көрө хааллын ээ. Этинэн-арыынан хааччыллыахпыт буоллаҕа, — Испиирэ этэрээти кытта барсар сөбүлэҥин этэн таһаарда. — Сөпкө этэҕин. Хаалан эрдин. Билиҥҥитэ этэрээккэ биэлсэрдээхпит, — хамандыыр Машаны хаалларан эрэргэ сөбүлэстэ. Испирдиэн Хабырыыллайабыс үрүҥ этэрээтэ кыайтаран өлөн-сүтэн ыһыллыар диэри ыстаапка учуотчук-суруксутунан сылдьыбыта. Кыайтарыы кэнниттэн кыһылларга бэринэн, үрүҥ этэрээтин дьыалатын барытын туттаран, күүс өттүнэн этэрээккэ ылбыттарынан, саа тутан сэриилэспэтэҕинэн, сотору босхолообуттара. Испирдиэн Хабырыыллайабыс көҥүлгэ ыытыллаат дойдутун булбута. Дьон-сэргэ кини аҕата Хабырылла сиэрдээх киһитин билэрэ уонна эмээхсининиин суорума суолламмыттарын ис дууһаларынан харааста ылыммыта. Таайдахха, ол иһин, нэһилиэк саҥа былааһын дьоно кинини норуот бандьыытынан көрбөтөхтөрө. Аллараа сүһүөх оскуолаҕа учууталынан анаабыттара. Кэргэнэ Маша эрэй бөҕөнөн айаннаан дойдутугар тиийбитэ. Ийэлээх аҕатын, кыргыттарын булан, толору дьоллоох курдук санаммыта. Эрэ кинини соҕотохтуу хаалларан үрүҥ этэрээтин кытта барсыбытын, хаһан да эйэлэһиллибэт таҥнарыынан аахпыта. Испирдиэн Хабырыыллайабыс сэргэ нэһилиэктэн саҥа ананан үлэлии кэлбит биэлсэр кыыһы ойох ылан, биир уолламмыттара. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаламмыта. Маҥнайгы 1941 сыллааҕы сайыҥҥы ыҥырыкка тылланан сэриигэ барбыта. Батарея хамандыырынан сэриилэспитэ. Чугуйуу кэмигэр бааһыран, дөйөн өйө суох сытан, билиэн түбэспитэ. Киһини ыттааҕар куһаҕаннык көрөллөрүн, туталларын этинэн-хаанынан умнубат курдук билбитэ. Батареятыгар бууска хамандыырынан сылдьыбыт, бииргэ дөйөн билиэҥҥэ түбэспит табаарыһыныын мүччү туттаран билиэнтэн куоппуттара. Түүн саһан, аччыктыыр, быстар диэн тугун билэн, сындааһыннаахтык айаннаан сэрии барар кирбиитигэр тиийбиттэрэ. Дьол хараҕа суох дииллэринэн дуу, дьылҕа ыллыга сирдииринэн дуу сэриилэһэ сылдьыбыт чаастарын хамандыырын дивизиятын кирбиитинэн билиэнтэн тахсыбыттара. Билиэн кэнниттэн доппуруос эрэйин-муҥун ааспыттара, хата, хайдах снаряд кэлэн түһэн «өлөн» хаалбыттарын көрбүттэр тыыннаах буолан, хамандыырдара көмүскэһэн, эмтэнэн баран, чаастарыгар төннүбүттэрэ. Ол кэнниттэн икки төгүл удамырдык бааһыран, госпитальга эмтэнэн сэриилэһэ төннүбүтэ. Сэриини Берлиҥҥэ түмүктэспитэ. Төбөтө, атаҕа-илиитэ бүтүн төрөөбүт Харыйалааҕар төннөн кэлэн учууталын үлэтин салҕаабыта. Испирдиэн Хабырыыллайабыс олох үрүҥүн-харатын икки атахтаах эт өйүнэн сылдьан, харам санаатын толороору оҥорорун, этинэн-хаанынан, кутунан-сүрүнэн үчүгэйдик өйдөөбүт, олох оскуолатын барбыт киһи. Кини ол үөрэхтэн ылыммыта, киһи киэҥ билиилээх, булгуруйбат сүрдээх, халбаҥнаабат соруктаах, өйө-санаата чөл буоллаҕына, өлөр-тиллэр быһылаантан киһилии сиэри-майгыны сүтэрбэккэ кыайыылаах тахсар аналланарын. Улуу Айааччы киһиэхэ биэрэр олоҕо эҥкилэ суох кэрэ аналлааҕын кэҕиннэрээччи киһи-аймах бэйэтэ. Онно туруулаһарга үөрэтэр оҕолорун иитэр санаалаах. Кини Сэкэ толкуйдуур өйдөөх оҕотун билэр, кылааһыгар хаалларан олоҕун айаныгар тохтобул оҥорорун эмиэ билэр. Сирдэтэрэ, билигин нуучча тылын дьаныһан, үчүгэйдик билбэтэҕинэ, дьоҕурун толору туһанан, омугар биэрэрэ тутахсыйыахтааҕын саарбахтаабат. Биир сылы сүтэрбитэ олоруохтаах кэмин биир хардыыта. Ол кыра, өҥөтө үгүс. Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах диэн домоҕу тутуһар. Киһи бу сиргэ олорбут суолун-ииһин биллэрдик хаалларыахтаах, онно уһуйуохтаах учуутал — ол мин диэн толкуйдуур.
Сэкэ уруоктар быыстарыгар Куолустуун дьиэлэригэр бииргэ барарга үлэстэ. Былырыын бииргэ үөрэнэн, мэлдьи арахсыспакка сылдьааччылар. Быйыл аҕыйах хонукка хонукка үөрэммит кэмнэригэр күүтүһээччилэр. Бүгүн Сэкэ, тоҕо эрэ, чопчулаһан үлэһистэ. Түөрт уруоктара бүтэн Сэкэлээх Куолус көрүдүөргэ булсан, оскуолаттан батыһыспытынан таҕыстылар. Урут кэпсиир-ипсиир бэйэтэ, Сэкэ тугу да саҥарбакка, тугун эрэ түһэрбитин көрдүүрдүү, аллара көрөн иһэр. Оскуола олбуоруттан тэйэ түһээт, аргыстаһан иһэр оҕолортон хаалаары тохтоото. Иккиэйэҕин хаалан, туохтан эрэ сэрэммиттии эргиччи көрүннэ уонна сибигинэйэн кэриэтэ: — Доо, бэһис кылааска үөрэммэккэ быһаарынным. Сарсын оскуолаҕа сылдьан баран, өрөбүлгэ дьиэбэр төннүөм. — Үөрэххин отой быраҕаҕын дуо? — Куолус киһитин сирэйин-хараҕын өҥөйөн көрө-көрө ыйытар. — Билбэтим, көстөн иһиэ, — Сэкэ эһиил үөрэнэ кэлэрин-кэлбэтин, кэллэҕинэ да хаһыс кылааска үөрэнэ киириэхтээҕин, кырдьык, билбэт. — Куолус, кимиэхэ да этимэ. Дьон тура илигинэ, эрдэ барыам. Аара аһыырга ыһыкта бэлэмнэһээр, — аны Сэкэ Куолуһун манаһар. — Лэппиэскэни, арыыны ыллахпытына, ийэм тута билэр буоллаҕа дии, — Куолус саарбахтыыр. — Өрөбүлгэ куобах көрө барабыт диэн ыһык бэлэмнэтиэхпит. Икки күнүнэн дьиэбин булуом, икки киһи күннээҕи сиир ыһыга тиийиэ уонна саабын илдьэ барыам, аара тугу эмэ бултуйуом буоллаҕа. Хата, испиискэ, туус, хочулуок булбут киһи, — Сэкэ эрдэттэн толкуйдуу сылдьарын доҕоругар эттэ. Куолус кэтэҕин тарбаммахтаан баран: — Эһэбиттэн көрдүөм. Кини эбэм курдук, туохха, тоҕо диэн токкоолоһо барбат. Өскө ыйыттаҕына, туох диирим буолла. Эһэм сымыйалыыры отой сөбүлээбэт, — сүбэлэтэр курдук ыйытта. — Кырдьык, куобахтыы барар курдук тэриниэххэ, сарсыарда үөрэххэ барар кэммитигэр хоҥнуохпут. Эн төннүөҥ. Мин дьиэбэр салҕыы барыам, — Сэкэ аҕыйах ый аҕа киһи быһыытынан быһааран кэбистэ. Сэкэ Куолустан үс ыйынан аҕа, онон убай. Дьиҥинэн ыллахха, оҕолорго биир-икки сыл аҕа саастанааһын бас-көс буоларга улахан оруолу оонньообот. Хаһан баҕарар, оҕолор сытыы-хотуу, ону-маны ордук билэр-көрөр, түргэнник быһаарыы ылынар, төгүрүччү сабырыйталыыр оҕону баһылык оҥостоллор. Баһыйтарбат, бас бэриммэт оҕо туспа хампаанньа тэринэр. Сэкэ өрөбүлгэ диэри сэмээр сылдьан хомунна. Куолус убайдара дьиэлэригэр бааллар. Интэринээттэрэ аһыллыа эрдэ. Арыый улахаттар интэриэстэрэ атын, кинилэргэ эрэ наадыйбаттар. Балаагыйа үлэтиттэн кэллэҕинэ, төһө да дьиэ ис-тас үлэтигэр уолаттара көмөлөстөллөр, дьиэ түбүгүттэн олорон турбат. Сэкэ толкуйун түһээн да билбэт. Сэкэ Хараанайтан кэлэригэр илдьэ кэлбит 32-лээх анал саатын Дахха илдьэ барбатах. Төннөр ыксалыгар умнубута дуу, анал баайын көрө сырыттын диэбитэ дуу, биллибэт. Сэкэ бултуурга үөрүйэх, саалаах буоллар эрэ киэҥ тайҕаҕа аччыктаабат. Аҕата Дахха, бааттаах булчут астаах буолар чинчилээх диэн бултуйан кэллэҕинэ, олус хайҕаабакка, харыстыы этээччи. Саха былыр-былыргыттан бултаан аһыыр омук. Булт иччитин Байанайы олус итэҕэйэллэр. Кинини кэлэппэт туһуттан булт бары үгэстэрин толору тутуһаллар уонна оҕолоруттан оҕолоругар биэрэн иһэллэр. Дахха өбүгэлэр сахтан, аҕалартан оҕолорго такайыллыы ол ирдэбилин булгуччулаахтык тутуһар. Сэкэ аҕатын үөрэҕиттэн элбэҕи билэр. Сэкэлээх Куолус сүбэлэспиттэрин курдук барыта табыллан, өрөбүл сарсыарда аһаат, манааҕыларын сүгэн, куобахтыыр дьоннуу туттан бардылар. Сэкэ Хараанайыгар кэлбит суолларынан быһалаабакка, Күрүөлээҕинэн эргийэн барыахтаах. Бөһүөлэги таһынан ааһар санаалаах. Сэкэ бөһүөлэктэн тэйэ түһэн баран: — Доо, кырдьык, куобах көрүөххэ. Биир куобаҕы өлөрдөхпүтүнэ, ону илдьэ барыаҥ. Үчүгэй буолбат дуо уонна эһэҕин албыннаабыт аатырбаккын, — диэн киһитин сэргэхситтэ. Куолус булка уһуйуллубатах, куобахтаан көрбөтөх оҕо: — Куобаҕы хантан булабыт? — саарбахтаабыттыы ыйытта. — Аҕам быйыл куобах баар буолсу диэбитэ. Үс-түөрт биэрэстэ бара түһүөххэ. Бөһүөлэк чугаһыгар ыттар куобаҕы уһаппаттар, улаатыннарбакка итигэстээн сиэн кэбиһэллэр, — Сэкэ улахан киһилии боччумнаахтык быһаарар. Салҕыы: — Куобаҕы хааман бултуурга киэҥ сири хаамыахха, күнүттэн көрөн ханна сытарын билиэххэ наада. Куобаҕы туран баран эрдэҕинэ иһиирэн сырылаттахха хорос гына олоро түһэр, оччоҕо ытаҕын. Кэмигэр ыппатаххына, туруортаран барбыт куобах сыппыт сиригэр булгуччу төттөрү эргиллэн кэлэр идэлээх. Ону манаан ытыллар, — Сэкэ үөрэтэрдии кэпсии истэ. Олус уһаабакка, уһун биримиэнэҕэ тахсар кэм саҕана, биир бороҥ куобаҕы туруоран ыраатыннарбакка, Сэкэ иһиирэн тохтотон ытан ылла. Куобахтарын Куолус манааҕытыгар уктулар уонна булчут үгэһин тутуһан сэргэ олоро түстүлэр. Арахсаары туран Сэкэ: — Доо, эдьиийбэр дьиэтигэр барда диэн этээр. Аймамматын. Суолу билэбин, ойуурга сылдьа үөрүйэхпин. Мунуом суоҕа. Дьиэтигэр тиийиэ диэр. Биэрэ Бөтүрүөбүнэ ыйыттаҕына, букатын барбыта диэр. Чэ, бакаа. Онно-манна аралдьыйбакка, кэлбит сиргинэн көнө бараар, — диэн Куолуһун улахан киһилии өйдөтөн эттэ. Сэкэ Куолуһа хараҕыттан сүтээтин кытта сүүрэр-хаамар икки ардынан Күрүөлээхтиир айан суолун булан, түһүнэн кэбистэ. Күн киириитэ Күрүөлээхтэр оттуур ходуһаларыгар тиийдэ. Салҕыы барбакка, отчуттар отууларыгар хонон ааһарга сананна. Кулуһун оттон, кэлэн иһэн бултаабыт бочугураһын буһаран, ыһыгын таһааран тото-хана аһаата. Отчуттар отууларын сабыы отун хомуйан ылбыттар. Балаҕан ыйын ортотунааҕы түүн таһырдьа киллэм сиргэ утуйар тымныытын билэр. Аҕата этэринэн, тыаҕа сылдьар киһи хоноругар сытар сирин сылаастык утуйан турар курдук оҥостуохтаах. Сэкэ утуйар сир көрдөөн тула көрдө. Тугу да бэлиэтии көрбөтө. Арай отууттан чугас соҕус, ойуур кытыытыгар, ходуһа быарыгар кэбиһиилээх от турар. Окко утуйарга сананна. Тиийэн кэбиһиилээх от тэллэҕиттэн үргээн, сытарыгар сөп гына холлороон оҥордо уонна онтугар киирэн, отунан саба тардынан утуйан хаалла. Уһуктубута күн ырааппыт, иккис уруок бүтэр кэмэ. Хороонуттан тахсан, тыыллаҥнаан уутун аһарда. Атахтара хайдах эрэ ыараабыттар. Бэҕэһээ олус быһа түһэн кэбиспит быһыылаах. Отуутугар тиийэн уот оттунан чэйдии сатаабата, күөһүттэн ордубут сулугур миинин сыпсыйбахтаата. Уоһун туора-маары соттоот, манааҕытын сүгэн айаҥҥа турунна. Сэкэ Күрүөлээх сирдэрин билэр. Бииргэ үөрэнэр доҕорунуун Кэспэлиин уруок кэнниттэн, хаар түһүөр диэри бултуур аатыран элбэхтик өрө-таҥнары хаампыт сирдэрэ. Иккиэн да айылҕаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэр. От-мас сыйыҥҥы күп-күөҕүнэн сууланан сүрэҕи эппэтэр сыттаах кэрэтиттэн араҕыстар, күһүҥҥү кэм туспа дууһаны манньытар уратылардаах. Күөгэлдьийэ сапсынар лабаалар чээлэй күөх сэбирдэхтэрин, көмүстүйэр өҥнөрүн уларыта охсон, киһини сэгэлдьитэр дьикти сытынан сайа охсоллор. Ыйанан туралларыттан салҕан, эрдэлээн лабааларыттан арахпыт сэбирдэхтэр тыалга тэлээрийэ көтөн, кыстык сирдэрин була түһэллэр. Күн уотуттан саһарымтыйар саһарҕанан оонньуур сир саптыахтаах суорҕанын бастакы самалыктара буолаллар. Хас хардыыҥ иһиллэр-иһиллибэттик сурдурҕаан, атыллаамахтаан ис диэн соруһар курдук. Күһүҥҥү тыа алыптаах көстүүтэ. Сэкэ Хараанайдыыр суолугар, тоҕойдуу турар Күрүөлээҕи таарыйбакка, тыанан быһа түстэ. Атахтара көһүйбүттэрэ ааһан, сүүрэ-сүүрэ хааман дэгэйэн иһэр буолла. Бүгүн хайаабытын да иһин, булгуччу дьиэтигэр тиийэргэ сананна. Дьиэтин, ийэтин, аҕатын, Бахсырын өйүгэр илэ бааччы көрөн кэллэ. Ис-иһиттэн чэпчээн, сирэйэ сырдаан, өссө түргэтиир. Киэһэ хараҥарыан иннинэ дьиэлэрэ турар сыһыыларын кэриитигэр киирдэ. Тиэргэнигэр чугааһаабытыгар Бахсыра эккэлии-эккэлии сүүрэн кэлэн түөһүгэр атахтарынан түһэн түөрэ көтөн кэбистэ уонна тула көтө сылдьан сирэйин салаамахтаата. Сэкэ сытан эрэ ытын моонньуттан кууһан ылла, ыта түөһүгэр туора сытынан кэбистэ. Доҕордуулар көрүстэхтэрэ ити. Сэкэ ааны сэмээр аһан дьиэҕэ киирдэ. Аҕалаах ийэтэ киэһээҥҥилэрин аһыы олороллор эбит. Тугу эрэ кэпсэтэллэригэр аралдьыйан аан тыаһа суох арылларын өйдөөн истибэтилэр. Саатын устан аан чанчыгар өйөннөрөөрү, саатын луоһунан муостаны «лос» гыннарбытыгар ийэтэ эргиллэ түстэ. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ, түүлүн дуу, илэтин дуу быһаара сатыырдыы, саҥата суох чыпчылыйбакка да одуулаан олордо. Уруттаан аҕата саҥа аллайда: — Бай, доҕор, хантан баар буола оҕустуҥ? — Оо, оҕом Сэкэ эбит дуу? Хайа, кимниин кэллиҥ? — ийэтэ уолун илэ көрөн олорорун өйдөөбүттүү ыйыталаста. — Бэйэм сатыы. Бэҕэһээ сарсыарда арахпытым, — салҕыы Куолустуун сүбэлэспитин кэпсээбэтэ. — Доҕоор, оттон үөрэҕиҥ? — Дахха үөрэҕин быраҕан кэлбитин сэрэйэр эрээри, уола туох диирин билээри ыйытар. — Испирдиэн Хабырыыллайабыс күһүҥҥүнү туттарар кэми аһардыҥ диэн туппата. Бэһискэ иккиһин үөрэнэ хаалларда. Биир кылааска хос үөрэммэт буоллаҕым дии. Эһиил кэмигэр тиийэн туттарыам, — Сэкэ хайдах быһааран толкуйдаабытын кэпсээтэ. — Эдьиийгэр этэн кэллиҥ дуо? — Балбаара ийэ быһыытынан, эппиэттээн хаалбыт киһи сүтүктүөҕүн сэрэйэн, ыйытта. — Суох. Эппитим буоллар ыытан бэрт. — Ол хайдах турдуҥ да кэлэн хаалаҕын? Сүтүктээн иэдэйбэттэр дуо? — Балбаара уолун сэмэлиирдии ыйыталаста. — Куолус билэр. Барытын кэпсиэ, — Сэкэ Куолустуун хобугунаһан тэриммиттэрин, түөрэ кэпсээн биэрдэ. Дахха саҥата суох иһиттэ. Олорбохтоон баран, түмүк оҥорордуу: — Үөрэххин быраҕан кэлбитиҥ куһаҕан. Хайыахпытый? Кэллиҥ да кэллэҕиҥ дии. Аныгы үйэҕэ үөрэҕэ, билиитэ суох табыллыбаккын. Чэ, быйыл тайҕа үөрэҕин барыаҕыҥ, — диэн быһаарда. — Харыйалаахха биллэрдэххэ сатанар. Барбытын билбиттэрин иһин, дьиэтин булбутун истиэхтээхтэр, — ийэтэ уолун төһө да аҕыннар, оскуолатыгар эппэккэ күүһүнэн кэлбитин буруйу оҥорбутунан ааҕар. — Сылгыларбын дьаһайа таарыйа Күрүөлээххэ таарыйан этэн ааһыам, — Дахха эмээхсинигэр эппиэттиир. Үөрэх туһунан кэпсэтии ааһан, Даххалаах Балбаара хайа сахха ахтыбыт оҕолорун көрөн, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ. Туох эрэ тиийбэтиттэн, ситэтэ суоҕуттан кэрик-курук турбут дьиэлэрин иһэ, дьэ, сэргэхсийдэ.
Уһук Уйбаан
4 чааһа (ҮҮТЭЭҤҤЭ)
Сэкэ, үөрэҕиттэн төннөн кэлээт, Хараанайын чугас эргин, хос иитэлээбит туһахтарын бэрийэн, мас көтөрдөөн Бахсырыныын күнү билбэккэ аһараллар. Арыт аҕата атыырдарын үөрүн сирдэрин уларытарыгар көмөлөһүннэрэр. Тыл таһаарбакка киҥинэйэн туойар аттаах айанньыт курдук, бэйэтин дьикти, ураты олоҕун тохтообокко суугунаан кэпсии турар, иннэ-кэннэ биллибэт аар тайҕа хоннохторугар саһан сытар сыһыылары, хонуулары иччилиир айылҕа көҥүл оҕолоро, сылгылар, киһи баҕатын хоту, ардыгар, үөрэ-көтө барбат идэлээхтэр. Киһи аата киһи, Даххаҕа сылгы үүрэригэр улахан көмө. Сэкэ аҕатын кытта сылгыга сылдьыһарын олус сөбүлүүр. Сыһыыга аһыы сылдьаллара даҕаны биир атыыр үөрэ атын атыыр үөрүттэн уратылаһаллар. Ону уолчаан өйдөөн көрөн, сылгылар эмиэ киһи курдук киэптэрэ бэйэ-бэйэлэригэр бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат эбит диэн дьиктиргии, сөҕө саныыр. Ньар диэн туус маҥан, таһаҕас тардар боруода курдук киппэ атыыр биэлэрин түмэ тутар идэлээх. Биир эмэ биэ туора халыйдаҕына, Ньар сүүһүн саба түһэ сылдьар көҕүлүн сахсас гыннаран, төбөтүн олоотуурдуу өрө хантайан кистээн киһигирэттэҕинэ, ол биэ буруйдаммыттыы уку-суку үөр диэки хаампытынан барар. Эдэр биэ Ньар ыҥырарын билиммэттии аһаан кирдиргэтэрин тохтоппотоҕуна, ыт булт суолун ирдээн тиҥсирийэ сүүрэлииринии, төбөтүн сиргэ суллуччу туттан, сиэлэн батыгыратан тиийэн, үөргэ үүрэн аҕалар. Үксүн Дахха иһэрин көрдөҕүнэ, үгэһинэн, тойон мин баар диэбиттии, инники атахтарын аччаччы үктэтэлээн, чөнөччү туттан туран, үөрүн хомуйарыттан атыннык, эҥсилиннэрэн таһааран, кистээн дьигиһитэр. Арҕам-тарҕам аһыы сылдьар биэлэр үөрүйэхтэринэн хомулла түһэллэр. Ньар үөрүн үүрэ сатаабаккын, ханна барыахтааҕын хайысхатын биэрдиҥ эрэ бэйэтэ билэн сиэлэн тамайбытынан барар. Кэнниттэн үөрэ, ыһыахха ыйаммыт саламаны санатан, субуруспутунан бараллар. Оттон Хочо диэн атыыр үөрүн тутара чыҥха атын. Кини үөрэ сыһыы муҥунан тарҕаһан мэччийэллэр. Хочо онно кыһаммат. Илдьэ сылдьар биэтиниин бодьуустаһартан орпот. Биэлэр бэйэлэрэ үөртэн арахпакка дьулуһар курдуктар. Дахха үөрүн туппат диир да, үчүгэйэ, Хочо үөрүн биэлэрэ бары ууланаллар. Күһүн ат үрдүттэн, ойуур саҕатыттан көрдөххө киэҥ сыһыы иччитэхсийбит, тугу эрэ күүтэ сатаан иһиллиирдии иһийэн сытааччы. Кэрии ото-маһа сайыҥҥы нуолур күөх симэх таҥаһыттан сыгынньахтанан, күһүҥҥү курус тыалтан иэҕэҥнэһэ хамсыыллар. Сыһыыга атыыр үөрэ аһыы сылдьара киһини үөрдэр, туланы сэргэхситэр. Дахха уолун тугу барытын өйдөөн бэлиэтии көрөргө үөрэтэр. Киһи болҕомтотун тардар сир, от-мас ураты көстүүлэрин ааһан баран ымпыктаан-чымпыктаан ыйытар идэлээх. Сэкэни төрөөбүт төрүт буорун айылҕатын хоһуласпат дьиктилэрин умсугуйа көрөр буолан, аҕатын ыйытыытыгар толору хоруйдуурун ааһан, ситэрэн кэпсээччи. Дахха уола барыны барытын билиэн-көрүөн баҕарарыттан иһигэр үөрэр. Уолчаан төһөнөн сыныйан, сыымайдаан тулалыыр эйгэтин көрөр да, оччонон сиригэр-уотугар кута-сүрэ тартарара күүһүрэр. Кини туох да манньаҕа, дьыл ханнык да кэмигэр айылҕаҕа сылдьарыттан аккаастаныан сатаммат курдук. Киниэхэ тулата тыастыын-уустуун, сыттыын-сымардыын барыта истиҥ, дьикти кэрэ. Дахха быйыл тыалыы Сэкэтин илдьэ барарга быһаарынан тэриллии түбүгэ үксээтэ. Ийэтэ Сэкэҕэ булка кэтэр ичигэс таҥас тигэртэн сололоммот. Урут тымныыга булка сылдьыспатах буолан, биир да бэлэм таҥаһа суох. Саҥа этэрбэс, куобах куллука, түүлээх истээх ыстаан, хопусуоннаах сон, уостаах үтүлүк тигэн алтынньыга булка тахсыахтарыгар диэри бүтэриэхтээх. Даххаҕа бултуур тэриллэрин бэрийэр түбүгэ. Таба тэллэҕэ, куобах суорҕана суох үүтээҥҥэ түүн утуйарга тымныы. Табата суох нэһилиэккэ тирии булбаккын. Дахха ону судургутук быһаарар. Былырыыҥҥы тайаҕын тириитин тэллэххэ кэмнээн кытыыларын бысталаан, сүгэ өнчөҕүнэн торун тоһутан, уолугар тэллэх оҥорор, Сэкэтигэр булчут тэҥэ, булка туттуллар тэриллэри ситэри бэлэмниир, саҥаны оҥорор. Түүлээх түүтэ ытарга ситэ илигинэ, эрдэлээн, добдурҕа саҕана бултуур үүтээнигэр баран иһэллэр. Булт саҕаланыар диэри үүтээнин тиэргэнигэр атыгар дал уонна от күрүөтэ тутар санаалаах. Дахха аҕатын кытта бултаспыт ыырыгар олохсуйан сылдьар. Аҕата эдэр эрдэҕинэ туппут үүтээнэ эргэрэн, үрдүн, эркиннэрин мастара эмэҕирэн, икки сыллааҕыта эргэ үүтээнин чугаһыгар ампаардыы охсон, саҥа үүтээн туттубута. Онтун сылын аайы, сайын булт кэмигэр атын аһатар отун оттууругар, таарыччы онтун-мантын ситэрэр. Быйыл сайын күрүө маһын кэрдэн бэлэмнээбитэ. Отун биир ат айаҕар холоон бэлэмнээбит буолан, бултуур кэмнэригэр эдэр атын хаһыыга ыытар санаалаах, илдьэ иһэр. Күһүҥҥү түүлээхситтэр сүрүн бултара тииҥ. Саһыл, киис аараабыт буоллахтарына хапкааннаан, сохсолоон бултаһааччылар. Хапкаан сэрии кэнниттэн атыыга кэлэ илик. Урут да ыраах тыа сиригэр мээнэ көстүбэт тэрил. Соругуран көрдөстөххүнэ булуллар. Өктөөп бырааһынньыгын көрсө, халлаан олохтоохтук тымныйыыта бултаан киирэллэр. Дэриэбинэҕэ күһүҥҥү булчуттар киириилэрэ улахан сонун, үөрүү буолааччы. Кимнээх кэлбиттэрэ, төһөнү бултуйбуттара ол киэһэ дьиэттэн дьиэҕэ улахан сонун буолан тарҕана охсор. Хас биирдии тыаһыт, үгэс курдук, тииҥ этин, куртуйах эбэтэр улар буһаран кэһиилэнээччилэр. Оһох таһыгар улахан хобордооххо ириэрэ ууруллубут кэһииттэн, оҕолор ирэрин ситэ кэтэспэккэ кучу-мачы гынан: «Олустаамаҥ эрэ, искитин тоҕо сүүрдүөххүт», — диэн буойуллаллара үксээччи. Булчуттар, сынньана түһэн баран, сэтинньи ортотун диэки бултуу иккиһин кырыналлар. Кыһыҥҥы бултааһын Саҥа дьыл иннинэ бүтэр. Бултаабыт түүлээхтэрин лааппыга туттаран харчы аахсан, дэриэбинэ иһэ сэргэхсийэн, дьон күлэ-үөрэ сылдьар, үөрүү үксүүр кэмнэрэ кэлэр. Кыстык хаар олохтоон түһэ илигинэ, тыаҕа эрдэлээн тахсарга быһаарыммыт кэмнэрэ кэлэн, сарсыарда тыҥ хатыыта туран сулбу-халбы аһаан, хомунан айаннаан иһэллэр. Дахха Даадарын көлүйэн, таһаҕастарын сыарҕаҕа тиэйэн, миинэн инникилээн иһэр. Сэкэ Улааныгар ыһыктарын сымаларга ыырдыбыттара. Үүтээннэрэ Хараанайтан ыраах, ортотугар хонон тиийиллэр сир. Быйыл уолун илдьэ сылдьар буолан, аара хонугулаабакка быһаарыммыта. Аллаах аттарын ходьоччу хаамтардахтарына, суолга бодьууһурбатахтарына үүтээннэригэр, түүннэтэн да, хонуктарыгар тиийэрдии иһэллэр. Боруулаах сыһыытын ойуурун саҕатынан баран иһэн Сэкэ ыгылыйбыт куолаһынан: — Көрүүй, көрүүй, күөл кытыытыгар саһыл сылдьар. Бахсырдара сытын тоҕо ылбатаҕа буолла, Сэкэ ыйарыгар өйдөөн көрөн, саһыл диэки түһүнэн кэбистэ. Саһыл эргиллэн чэрэччи туттан көрөн турбахтаат, куттал суоһаабытын сэрэйэн, туора-маары бугуйбахтаан баран, иннин хоту, мууска сүүрэн киирдэ. Өлүү да, үөрүү да түбэлтэлээх диэбиккэ дылы муус үрдэ күһүҥҥү хаҕыс тыыннаах тыал кыраһа хаарын сиппийэн, күөл мууһа ууттан саҥа тахсыбыт чоху көхсүнүү килэбэчийэ сытар. Саһыл килэчигэ халты тирэнэн субу-субу умса барар. Төһөнөн түргэтии сатыыр да, оччонон охтор. Бахсыр өйдөөҕүн өйдөөх, мууска киирбэккэ кытыыга туран, үрэн маргыйар. Саһыл ол аайы ыксыыр быһыылаах, охторо элбиир, сир өнүппэт. Дахха чэпчэки баҕайытык дэгэс гынан атыттан түһэн, сүгэн иһэр туоһапкатынан тобугар өйөөн кыҥаан олорбохтоото, тириитин алдьаппакка баска табаары, саһыл мананан, төбөтүн эргилиннэрэрин кэтэһэн, кыҥастаһар. Ытан «пус» гыннарбытыгар, саһыл, дьэ, букатыннаахтык умса хоруйда. Айылҕа өҥүн-түүтүн, быһыытын-тутуутун быһыытын-тутуутун кэрэтитэн айбыт биир маанылаах оҕото, саһыл котоку күн сиригэр тыыннаах сылдьар туһугар төһө кыаҕа тиийэринэн мөккүһэ сатаата да, уодаһыннаах өй баһыйда. Айылҕа олох олоруу охсуһуутугар, кыахтаах кыайыахтааҕын суруллубатах сокуона. Дахха эмиэ орто дойдуга аһаан-таҥнан, оҕотун, ойоҕун иитэн этэҥҥэ олороругар булар-талар ыйааҕа. Ону эмиэ сүөргүлэниллибэт. — Доҕоор, чэпчэки киһи киирэн ылан таҕыс, — уолун соруйда. Сэкэ, атыттан ыстанан түһээт, атын иҥиннэрэр да бокуойа суох саһыл ыла ыстанна. Дахха ат көнтөһүн сыарҕа кэлгиэтигэр эрийэ тутаат, уолун батыста. Ситэ-хото халлаан тымныйа илик кэмигэр күөл кытыытынааҕы хойуу от уута хойутаан тоҥор. Мууһа чараас буолар. Сүөһү да, киһи да онно түһэн быстарааччы. — Доҕоор, ыксаама, күүт, — дии-дии сүүрэн сэкэйдэ. Тиийбитэ — уола хайа сахха тобугар диэри ууга түһэн турар эбит. Күөл кытыытын уутун түгэҕэ обоччото суох буолан абыраабыт. — Күһүн күөл кытыытыгар ланхалаах сөкүгэ киһи сэрэнэр баҕайыта, — сэмэлиир икки, үөрэтэр икки ардынан саҥарда. Сэкэ сытыйдар да, уутун чаккыраппытынан, саһылын илин атахтарыттан тутан, соһон налыбыратан таһаарда. Сыарҕаларыгар тиийэн, кулуһуннанан, куурдунан бодьуустаһа сатаабакка, Дахха таһаҕастарын кэлгиэтин сүөрэн, сыматтан уолун солбуһук таҥаһын булан биэрдэ: — Сыарҕаҕа олорон түргэнник таҥаскын уларыт уонна аккын мииммэккэ сатыылаар. Начаас ириэҥ, — уолун соруйда, салҕыы, үөрүүтүн үллэстэрдии: — Бултуохпут иннинэ бултуйдубут. Бааттаах булчут буолууһугун дуу, доҕор, — булт харысхалын тутуһан, ыйытардыы хабааннаан, сэргии эттэ. Инчэҕэй сыгынньах этин күһүҥҥү хаҕыс сиккиэр имэрийбэхтээн, Сэкэ туттара-хаптара өссө түргэтээн, көрүөх бэтэрээтинэн таҥаһын уларыта охсон айаннарын салҕаатылар. Эрдэлээн утуйар ыал бастакы уутун саҕана бултуохтаах олохторугар тиийдилэр. Аттарын баайталаан, үүтээннэригэр тиийбиттэрэ, халҕана уонча хаамыы тэйиччи сытар. Дахха сайын оттоон барарыгар аанын дүлүҥүнэн баттатан барбытын, эһэ үүтээҥҥэ киирэ сылдьаары суолун соломмутун биллэ эрээри, кини толкуйа атын: «Быйыл сир аһа дэлэйдик үүммүт сылыгар тыатааҕы тугу көрдөөн кэрийдэҕэй, тугу түүйэр?» — диэн. Хата, ааннарын алдьаппакка кулугутуттан тоҕо тардан ылан туора элиппит. Көмөлөөн ааннарын сэлбийэн, оннугар туруоран таһаҕастарын үүтээннэригэр тастылар. Дахха хаалларар иһитин-хомуоһун, сэбин-сэбиргэлин үүтээнин умуһаҕар уурааччы. Аҕата: — Тайҕаҕа кыыл-сүөл элбэх, ону ааһан, киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа буолар түбэлтэлэрдээх. Хаалларар малгын харахтан тэйиччи умуһахха уурар ордук, онно кыра кэрбээччилэртэн ураты киирбэттэр, — диэн үөрэтэрдии этэр. Дахха сайын кэлэ сылдьан уокка оттор маһын бэлэмнээн, үүтээнин иннигэр кыстаан барааччы, барыта бэлэмҥэ кэлэллэр. Чүөмпэ көлүйэттэн уу баһан таһааран, оргутунан, ыһыктарын таһааран аһаатылар. Сылыта тарҕаппыт утуйар таҥастарын хомуйан орон оҥоһуннулар. Сэкэ биллэриккэ, бэйэтэ үүтээн хаҥас эркинин устунан оронугар бастаһа сытар буоллулар. Сэкэ утуйаары сыгынньахтана олорон: — Түүн эһэ кэлиэ суоҕа дуо? — диэн куттана санаан, аһаҕастык ыйытта. — Хайа, доҕор, тыатааҕылар добдурҕа иннигэр, балаҕан ыйын бүтүүтэ арҕахха кыһыҥҥы ууларыгар утуйа киирээччилэр. Дахха таарыччы эһэ туһунан ситэри кэпсиирдии, салҕыы: — Булчуттар хаһан да утарытынан эһэ диэн ааттаабаттар. Харыстаан биһиги диэки тыатааҕы диэн ааттыыбыт. Сир-сир аайы ойуурдааҕы, кырдьаҕас, адьырҕа, онтон да атыннык ааттыыллар. Тайҕа муҥур тойоно чахчы сүдү кыыл, өйө-төйө, күүһэ-уоҕа, киһи сөҕөрө. Биһиги тыаларбытыгар сылдьар тыатааҕылары хагдаҥ эһэлэр дииллэр да, түүлэрин өҥө уратылаһар буолааччылар. Эдэр кыыллар харалар, сааһыран истэхтэрин аайы, кытарымтыйан көстөллөр. Маҥан моойторуктаахтар, ураанньыктаахтар эмиэ бааллар диэн кэпсииллэр. Уон биэстээхпэр аҕабын кытта арҕахтаах эһэни бултаһарбар куттанан сүрэҕим хайдыбыта. Тыатааҕыны көрсүбэтэх эрэ киһи диэн толкуйдаахпын. Билигин бултаһыннара ыҥырбыттарын да иһин барсар санаа суох. Ол курдук, оҕо сааска улаханнык куттаныы олоҕуҥ устата батыһа сылдьар эбит, — Дахха иккис табах эриннэ, оһохтон чох ылан уматтарыгар кэпсээнин тохтотон ылла. Табаҕын буруотун күүскэ эҕирийэн көхсүн этиттэ уонна салҕыы наҕылыччы кэпсээнин саҕалаата: — Доҕор, эн да кырдьаҕаһы кытта көрсө сатаабат буол, дьалты сылдьар ордук. Мээнэ кини туһунан саҥарыллыбат, ахтыллыбат. Оҕонньоттор кини туһунан тугу кэпсэтэри истэр уонна билэн сылдьар диэччилэр. Аҕа тыатааҕы маска бэлиэ охсон күөнтэһэр диэччилэр. Сэкэ аһаан бүтэллэригэр сыҥааҕырдаан дьааһыйа олорбута ааһан, харах-кулгаах иччитэ буолан, аҕатын кэпсээнин уҥа илиитин тоҕонохтоон, ытыһыгар сыҥааҕын ууран, өттүгэстээн сытан: — Маска хайдах бэлиэ охсоруй? — диэн ыйытар. — Сылдьар ыырыгар, көнө суон маһы булан, икки атаҕар туран хатырыгы тыҥыраҕынан хайа тардар. Ону атын тыатааҕы кэлэн күөнтэһэргэ сөбүлэһэрин биллэрэн, бэлиэ үрдүнэн тыҥыраҕын суолун хаалларар. Оччоҕо, маҥнайгы бэлиэ хаалларбыт кырдьаҕас өссө үөһэнэн тардар. Иккис бэлиэтин көрө булгуччу кэлэр уонна саҥа бэлиэ үрдүнэн саҥаны охсор. Ол курдук күрэстэһэн, хайалара үөһэнэн бэлиэ хаалларбатах күөн көрсүһээри манаһар үһү. Мин оҕо эрдэхпинэ кэпсииллэрэ, Халыаһай диэн оттомо суох, мээнэ тыллаах-өстөөх, киһиргэс киһи тыатааҕылыын күрэстэспит. Бэлиэлээх маһын көрөн үрдүнэн: «Күрэстэһэн да көрүөххэ», — дии-дии сүгэнэн суол таһаарбыт. Үс-түөрт күн ааспыт. Сылдьыспыт киһитэ, дьээбэтигэр, үтэн-анньан көрөн: «Бэлиэ умнулунна дуу?» — диэн ыйыппыт. Киһитэ: «Үс хонук манаһар сурахтаах, төрдүс күнүгэр күүтэр эбит дуу, суох дуу, ону билээри сарсын бараары сылдьабын, хата барсан көрөөр хайдах, ханна маныыр эбитин», — төтөлө суох хардарбыт. Аргыһа барсарга сөбүлэспит эрээри, бэлиэлээх маскар бэйэҥ тиийээр, мин тэйиччи хаалыам диэн сөбүлэҥ ылбыт. Кэпсэппиттэрин курдук, Халыаһай маһыгар тиийиэ үс-түөрт хаамыы хаалбытын кэннэ, хантан да кэлбитэ биллибэттик, кытарымтыйар түүлээх тыатааҕы сүдү улахана Халыаһайы түҥнэри көппүт уонна эргиллэн үрдүгэр түһэн эрдэҕинэ, аргыһа бинчиэстэринэн биирдэ ытан кэбиспит. Аргыһа туох буолуохтааҕын сэрэйдэҕэ, ытарга оҥостон күүтэн турбут буолан киһитин өлүүттэн быыһаабыт. Кэпсииллэринэн, түҥнэри көтөн баран, кэтэхтэн төбө куйахатын саралыы тардан, сирэйигэр саба быраҕар, онтон мээчиктиир курдук үөһэ быраҕа-быраҕа хабыалыы оонньуур үһү. Халыаһай кутталыттан ыстааныгар ыһыктыбытын, киһититтэн кимиэхэ да кэпсээйэҕин диэн ааттаспыт сурахтаах. Онтон ыла, Бэлиэ охсор Халыаһай диэн хос аатын тупсаран биэрбиттэр. Кырдьаҕас булчуттар бас-баттах саҥарар, бардам эдэр киһини: «Бэлиэ охсор Халыаһай курдук буолаайаҕын», — диэн сүөргүлээһин домоҕо буолан умнуллубакка кэпсэнэ сылдьар, — кэпсээнин түмүктүүрдүү туран, үүтээн аанын «хаахыр» тыаһатан таһырдьа таҕыста. Киирбитигэр утуйар туһунан умнубут Сэкэ ыйыта тоһуйда: — Оттон эн хайдах эһэттэн куттаммыккыный? — Утуй, доҕор. Түүн ортото ааспыт, аттарбын аһаталаан баран утуйуом, ситэ сойо иликтэр, — аҕата өссө да олоро түһэрдии оҥостон, хаппыт тиит мас хардаҕастара умайан бүтэн, күөх төлөнүнэн эриллэҥнии оонньуур чохтоох көмүлүөгүн толору оттон биэрдэ. — Сарсын кэпсиэм, утуй, доҕор. — Эн да утуй ээ, аттары сарсыарда да аһытыахпыт буоллаҕа, — Сэкэ аҕатын кытта барытыгар тэҥҥэ сылдьыах баҕалаах. — Кэбис, доҕор, айаннаан кэлбит аты сойоотун кытта булгу аһатыллыахтаах. Кэмигэр аһаппатахха ат тымныыга титирээн ырар. Сойо илик аты аһаттахха уурастыыр. Уурастаабыт ат көлөһүнүн туппат буолар, ол аата мөлтүүр, эрдэ быстар. Ат сойбутун сойботоҕун, сиэлин аннынан моонньун тутан көрүллэр. Көлөһүнэ куурбут буоллаҕына, сойбут аатырар. Ыраах айантан кэлбит ат тоҥ кырбас этинэн күөстэнэн аһаан бүтүү кэриҥинэн сойор, аныгылыы икки чаас кэриҥинэн, — Дахха уолугар аа-дьуо быһааран көпсиир. Сэкэ ситэри истибэккэ, аҕата наҕыл, биир күдьүс саҥатыгар бигэнэн муннун тыаһа бучугураан барда. Дахха уола утуйбутугар кэпсиирин тохтотто. Оһоҕун чоҕо сөҕүрүйүүтэ, тахсан аттарын аһаталаан киирэн, сытаат утуйда. Дахха сарсыарда ходьоччу туран, уолун уһугуннарымаары, сыбдыйан сылдьан уотун отунна. Үүтээннэрэ турар үрдүк сириттэн сүүсчэ хаамыы тэйиччи, аллара сытар көлүйэҕэ бэҕэһээҥҥи ойбонун мууһун сүгэнэн тэһэн, иһиккэ уу баһан таһааран, чэйин уутун оргута уурда. Тахсан аттарын бэрийдэ, кырыатаата, иһэхтэтэлээтэ, сарсыардааҥҥы эбиискэ отторун биэрдэ. Ытын аһатта. Тас үлэтин бүтэрэн, илин диэки ырааҕы одуулаан турбахтаата. Бу туран тугу толкуйдаабытын чопчулаан кэпсиир кыаллыбат. Сэрэйдэххэ, аар тайҕа иччититтэн атыҥыраабакка биэбэйдээн сылдьан бултатарыгар, Баай Байанайтан булду-алды өлүүлүү түһэригэр көрдөстөҕө буолуо. Киирбитэ — Сэкэ хайа сахха уһуктан таҥна олорор эбит. — Хайа, тоҕо утуйа түспэккэ турдуҥ? — солуутугар, саҥарыахха эрэ диэн ыйытта. — Уһуктан баран, бултуу кэлэн баран хайдах сытыахпыный, — Сэкэ хап-сабар хап-сабар хоруйдуур. — Булт кэмэ кэлиэ эрдэ. Биэс-алта күн олохпутун оҥостуохпут. Бүгүн аттарбытыгар дал уонна оттоох күрүө тутуохпут. Аты тымныыга баайан турдахха ордук тоҥор, босхо ыытан аһатар ордук, — Дахха сарсыардааҥҥы аһын бэлэмнии сылдьан уолугар быһаарда. Сып-сап чэйдээн, күрүөлэрин тута таҕыстылар. Дахха сайын күрүөтүн маһын сулуйан, таһан бэлэмнээн кэбиһэн, үлэлэрэ дөбөҥ, туруораллар эрэ. Сир кырса тоҥон эрэр кэмэ, тоһоҕону кыайан сиргэ анньыллыбат. Аҕата тоһоҕо анньыллар сирин бэлиэтээн биэрбитин Сэкэ сүгэнэн кырсын кириэс-мараас охсон тоҥун аһан биэрэр. Дахха уолугар иккис сиэрдийэ тоһоҕолорун үһүс эргиир тоһоҕолорунан хайдах күөйэ анньан баайары көрдөрө-көрдөрө: — Күрүө тоһоҕолорун баайбатахха, сүөһү аалыннаҕына хаадьаҥнаан устунан ыһыллар. Күрүөһүт сүөһүлэр соруйан аалынан күрүөнү алдьатар идэлээхтэр. — Манна ынахтар тиийэн кэлбэт буоллахтара дии, — Сэкэ судургу толкуйун этэр. — Олоҕуҥ устата элбэх күрүөнү тутуоҥ, тоһуйа кэпсиибин, — диэн Дахха кэпсэтиини түмүктээтэ. Күнүскү чэйдэрин кэнниттэн далларын бүтэрэн, аттарын ыыталаан кыратык от быраҕан биэрдилэр. Арыый эрдэ таһырдьа үлэлэриттэн бүттүлэр. Киэһэ күөстэнэн тото-хана аһаан оронноругар тиэрэ түһэн, атахтарын оллооннуу тэбэн сыттылар. Сэкэ аҕата тугу гынарын, туттарын-хаптарын толору түһэрэр, кыра күлүк үтүктээйи буолан сылдьар. — Эһэттэн куттаммыккын кэпсиэх буолбутуҥ дии, — Сэкэ аҕатыгар санатар. — Чэ, кэпсиим даҕаны, — Дахха чочумча саҥата суох сыппахтаата. Таайдахха, түөрт уонча сыллааҕы быһылааны өйүгэр сааһылаан, ол ырааппыт кэмҥэ хос тиийдэҕэ. — Оччолорго сэттэ кылааһы бүтэрэн салҕыы үөрэнэ барбакка, аҕабын кытта маҥнай тыалаһар кыһыным этэ. Оччолорго Хараанайтан хоту Таас үрэх баһынан бултуур этибит. Өктөөп бырааһынньыгын кэнниттэн хос бултуу тахсыахтаах кэммит этэ. Биир киэһэ Талыр Ньукулай киирэн кэллэ. Бөһүөлэк анараа уһугар олорор, киирэ-тахса таарыйбат киһи, соругуран кэлбитэ сэрэйиллэр. Чэйдэһэ олорон: — Сэмэн, кыттыгаска ыҥыра кэлэн олоробун. — Ол туохха кыттыһыннарар санааланныҥ? — аҕам ыйытар. — Ойуурдааҕы дьиэтин булан киирбитим, бултаһан көрүөххэ баара, — Халыр быһа-хото саҥарбат, баҕар аккаастаныа диэбитэ дуу. — Биһиги иккиэбит, быйыл уолбунуун тыалыыбыт, — төһө да мин үөрэнэ барбакка, аҕабыныын бултаһарбын бөһүөлэк дьоно бары биллэллэр, аҕам чопчулаата. — Оҕо киһини тоҕо көҥөөтөхпүнүй, кыттыһыннаран бөҕө. Аҕам саҥата суох олорбохтуу түһэн баран: — Кырдьаҕаска сорунарга, үгэс быһыытынан, оҕону аахпатахха, үстэн аҕыйаҕа суох киһи кыттыһыахтаах, үһүс киһигин кими ыҥыраҕын, кыттыгаһыҥ Тоорой сөбүлэһэр дуо? — аҕам Тооройу тоһоҕолоон ыйытта. Тоҕо ыйыппыта биллэр. Тоорой ыарыһах, үйэтигэр бултааһыны сэҥээрбэтэх, дьиэ таһынааҕы дэнэр киһи. Халыр бииргэ бултуур үөлээннээҕэ Лэгэнтэй соһуччу өлөн хаалан, иккис сылын Тооройу доҕор гынан тыалыыр. Тоорой сүрүннээн отууну дьаһайар, ардыгар олохторун эргийэ хааман бултаһар үһү. — Барсар, аны хаалбат, тайҕаҕа сылдьарын сөбүлээн, дьарҕалара да ааспыт курдуктар. Кини эһэлэспэт кыттыгас эрээри, киһи аата киһи, ахсааҥҥа баар буоллаҕа. — Халыр аҕам диэки хайдах эрэ көрдөһөрдүү көрөн олорон: — Эйиэхэ эрэнэн кэллим. Аҕам олорбохтоон баран: — Буоллун даҕаны, — сөбүлэһэрин, киһи саарбахтыаҕыныы этэн таһаарда. Мин булка баҕалаах киһи кырдьаҕаһы арҕахтан хайдах бултууру көрөөрү үөрүүм улахан. Болдьохтоох кэммитигэр хомунан, Талыр бултуур үүтээнигэр тиийэн хоннубут. Барар сирбит ыраах. Үүтээнтэн кырдьаҕас сытар сирэ биир көстөөх. Сарсыарда эрдэ туран бараары хомуна сылдьан: — Ыттары баайталаан кэбиһиҥ, — аҕам мантан инньэ кини салайарын биллэрэрдии соруйталаата. Таайдахха, арҕахха тиийэн үрэннэр эрдэ уһугуннарыахтара дии санаатаҕа. Кэлин билбитим, арҕахтан бултуурга ыттамматтар. Тохтообут сирбититтэн, туруорбах хотон эркинигэр барсар суоннаах тиит маһы охторон, икки былас курдук уһуннаах икки дүлүҥү быһан, сүгэн кырдьаҕаспыт сытар сиригэр тиийдибит. Аҕам ыксаабат, бириэмэни уһата сатыыр курдук туттар. Олорон эрэ наҕылыччы табахтаатылар. Тоорой төрүт табах тарпатах киһи этэ, мин оччолорго эмиэ табах тарпатым. Тугу гыныахпытый, сүүскэ тыксыыга тарбах таайсабыт. Миэнэ түҥэтиллэр, киниэнэ түҥэтиллибэт ахсаан. Тоҕо эрэ табыллыбатым, элбэхтик тыктардым. Кэлин өйдөөбүтүм, мин туппут тарбахтарбын көрөн баран таһаарар эбит. Сүүйсүүлээх оонньууларга киһи хараҕы баайан, сүүйэр сүүлүктэр бааллар. Сиэрдээх киһи сүүйсүүгэ оонньуо суохтаах. Аҕам туран, хаарын тэбэнэ-тэбэнэ дьаһайталаата: — Ньукулайдаах Сэргэй бүө маскытынан арҕах айаҕын бүөлүү түһэрэҕит. Тэҥҥэ тутта сатаарыҥ. Тоорой итиннэ сааҕын бэлэм тутан тураар. Уордаах буоллаҕына ыттарбакка тахсыан сөп. Оччоҕо мин ытарбын күүппэккэ ытаар. Дьоҥҥун сэрэнээр. Эһиги бүөҕүтүн түһэрээт, сааҕытын бэлэм тутан, тэйэн биэрээриҥ. Мин ойоҕоһуттан туран арҕах түннүгүнэн ытыам. Байанайбыт бэристэҕинэ табыллар инибит, — диэн аҕам санаабытын өрө көтөҕөрдүү түмүктээтэ. Сорудаҕы толорон, Ньукулай биһикки арҕах аанын оргулун силэйэ мастарбытын түһэрээппитин кытта, арҕах үрдэ бурҕас гынарга дылы гынна, кырдьаҕаспыт ырдьаччы айаҕын аппытынан, киһи куйахата күүрэрдик кырдьыгынаан бу тахсан кэллэ. Уолуйан үрүө-тараа ыстаныы буолла. Эһэ миигин көрбүтүнэн ыстанна, кэнниттэн аҕам ойон иһэр курдуга, туохтан эрэ иҥнэн тиэрэ баран түстүм. Эһэ кэлбит омунугар ааһа көттө. Аҕам эмиэ үрдүбүнэн ойон ааста. Мин хаарга булумахтана сылдьан хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, аҕам икки атаҕар тура сылдьар эһэлиин куустуһа сылдьар эбит. Кырдьаҕас баппаҕайдарынан үөһэттэн аллара, бэйэтиттэн туора дайбаталыыр, аҕабын таба охсубат. Эһэ уора умуллан, дайбыыра тохтоон, куһаҕан баҕайытык хардьыгынаан сууллан түстэ. Аҕам хаан-билик буолбут харыс усталаах быһаҕын туппутунан турар эбит. Соторутааҕыта суоһун-суодалын көрдөрбүт аар тайҕа баһылыга куттала ааһан, утуйбуттуу үллэн сытар уорҕатыгар олорон табахтаан, уоскуйан баран, быһылааны ырытыстыбыт. Тоорой эһэ тахсаатын кытта саатын туора эһээт, суон мас кэннин былдьаспыт. Талыр арҕах кэннин диэки ыстаммыт, уонча хаамыыга турар бэскэ сөрүөстүбүт. Аҕам эһэ тахсаатын кытта төбөҕө кыҥаат саатын элбэрээгин тарпыта, эспиэскэлээн «тас» гыммыт. Көрдөҕүнэ, эһэ миэхэ түһэн эрэр үһү. Оҕотун эһэҕэ сиэтэн эрэр киһиэхэ саа хос ииттэр өй, бокуой хантан кэлиэй. Оҕом оннугар миигин диир санаанан эһэҕэ ыстаннаҕа дии. Эһэ, миигин ааһа көтөөт, иккитэ-үстэ ойоот, хорус гыммыт уоннар эргиллэ түспүт. Кэнниттэн киһи сүүрэн иһэрин көрөөт, өстөөҕүн көрсө икки кэлин атаҕар турар кэмигэр аҕам кууһа түспүт. Арҕаһын уһун түүтүттэн сыгынньах илиилэринэн бобуччу харбаан ылбыт. «Ыһыктыбатах эрэ киһи», — диэн толкуйдаах, охтубат эрэ мучумааныгар сылдьыбыт аҕам, өй ылан, быһаҕын ойутан таһааран, эһэни сүрэҕин туһаайан харыстаах быһаҕын угар диэри саайбыт. Эһэтэ дьигис гыммыт, ол эрээри дайбыырын тохтоппотох. Хаста да аспытыгар улам хамсанара бытааран, нук буолан, охсорун хоту охтон түспүт. Аҕам тымныы салгыҥҥа буруолуу сылдьар буолуор диэри уута тахсыбыт этэ. Бэргэһэтэ туора көтүллэн хаалбытын хаалбытын тэпсибит хаардарын анныттан булбута. Аҕам эһэлиин хапсыһарын Талырдаах Тоорой туора туран, үчүгэйдик көрбүттэр. Кэлин уустаан-ураннаан кэпсэл оҥостоллоро. Мин кутталбыттан охтубут сирбиттэн турар да кыаҕа суох, мээнэни көрөн олорбутум быһыылааҕа. Киһи куттаннаҕына хамсыыр, өйдүүр кыаҕыттан тахсар эбит этэ. Эһэбитин сүлээри эргитэ сылдьан аҕам: — Быһаас оҕоломмут эһэ эбит. Оҕотун илдьэ сыппыт буолуохтаах, — диэтэ. Арҕахха хос тиийэн чуҥнаан көрбүппүт, кырдьык, үрэллибит арҕах муннугар кирийэн сытаахтыыр эбит. Эрэйдээҕи аһына санаабыт иһин ханна гыныахпытый, «харайбатахха» кыһыны туораабат, син биир өлөр. Аҕам: — Чэ, эн арыый эдэрчи киһи Байанай бэлэҕин ситэри ыл, — диэн Талырга ыттарбыта. Арҕахха бултаатахха, саха үгэһинэн, кыттыгастаахтартан сааһынан эдэрдэрэ киирэн быалаан тахсыахтаах уонна бары соһон таһаарыахтаахтар. Онон быалааччылара мин. Куттаммытым ааһан-араҕан биэрбэтэр да, үгэһи кэһэр кыах суох, булчут өбүгэлэр үгэстэрэ суруллубатах сокуон, булгу толоруллуохтаах ыйаах. Дьонум ыһыллыбыт оргулун хомуйан ыраастаатылар. Арҕах иһэ төһө да үрдэ үргэйиллибитин иһин, сылаас уонна ыарахан ыылаах сыттаах этэ. Аҕам икки илин атаҕын холбуу хайдах баайары көрдөрбүтүн курдук, иэним кэдэҥнээтэр да, ыксал бөҕөнөн кыаһылыы баайаат, төттөрү дьулустум. Аҕам Талырдыын кырдьаҕастарын астаары быһахтарын хатата турдахтарына: — Аттарбытын аҕалан тиэйэн илдьэн үүтээн таһыгар сүлүөҕүҥ, — диэн үүтээҥҥэ иттэ-иттэ астаһаары этии киллэрдим. — Булду харайыллыбыт, ол аата бултаммыт сиригэр астаныллыахтаах. Улахан булка харыс тыллары туттан саҥарыллыахтаах. Өлөрдүм, ыттым, сүлэбин, эттиибин диэн тыллары туттуллубат, — диэн аҕам миэхэ кытаанахтык өйдөтө эттэ. Салҕыы: — Тооройдуун баран аттаргытын көлүйэн аҕала туруҥ, — соруйда уонна, — манна астаан баран үүтээҥҥэ үтэһэлиэхпит, — диэн быһаарда. Сахалар кырдьаҕаһы бултаатахтарына, хаппыт мастан тыыран, үтэһэ оҥорон көп этин үтэһэлииллэр уонна ыалларыгар кэһии гынан бэрсэр үгэстээхтэр. Харынньытын, тириитин, баппаҕайдарын, үөһүн арҕаҕы булбут киһи бэйэтигэр хаалларар, уоннааҕытын бултаспыт дьон тэҥҥэ үллэстээччилэр. Дахха кэпсээнин түмүктүүрдүү көхсүн этиттэ, саппыйатын таһааран мохуоркатын эриннэ. — Ол мучумаантан ыла кырдьаҕастыын көрсүспэтэх киһи диэн сылдьабын, кини суолун быһа хаампаппын, дьалты сылдьа сатыыбын, — саҥата суох: «Эн эмиэ, ону тутус», — диирдии уолун супту көрөн олордо. — Ол кэнниттэн оччоҕо ойуурдааҕыны бултаһа иликкин дуо? — аатырар булчут эрээри хайдах оннугуй диэбиттии, Сэкэ аҕатыттан ыйытта. — Арҕахтан бултаһыннара ыҥыраллара, аккаастанааччыбын. Ол эрээри, биирдэ бэйэм бултаан турабын, — чочумча тохтуу түһэн баран, салҕыы: — Дьэ, доҕор, киэһэрдибит, тахсан аттарбытын аһатан киириэх. Дахха уолун илдьэ сырыттаҕына, хаһан да бэйэм дьаһайыам, оҥоруом диэччитэ суох, ханнык баҕарар үлэҕэ тэҥҥэ үлэлэһиннэрэр идэлээх, арай үлэ ыарахан, уустук өттүн бэйэтэ оҥороругар: «Сиппит киһи итини мин оҥоруум эрэ», — диэччи. Аҕата Сэнэх Сэмэн кинини эмиэ тэҥҥэ илдьэ сылдьан үлэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаны бэйэтинэн көрдөрөн үөрэппитэ. Удьуор салҕаныыта диэн төрүттэрбит итини ааттыыр буолуохтаахтар. Саха мындыр үөрэҕин кыһата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ. Ол иһин омук симэлийбэт дьылҕалаах. Аттарын бэрийэн баран, оттоох күрүөлэрин таһыгар аттарыгар сургуй туталлар. Ыксаабакка эрээри, олорон турбакка таһырдьа хараҥарыыта үлэлээн бүтэллэр. Үүтээннэригэр да таах олорботтор. Дахха саҥа чааркаан оҥорор. Уолун үөрэтэ-үөрэтэ көмөлөһүннэрэр. Сэкэ чааркааннара баарын үрдүнэн тоҕо эбии оҥороруй диэн саныырын таайбыттыы: — Бултуур сэп элбэҕэ үчүгэй уонна төһөнөн элбэҕи иитэҕин да, оччонон бултуйаҕын, кыайан сылдьар эрэ эрэйиллэр. Булт уҕарыйбат дьулууру, элбэх сыраны эрэйэр ыарахан үлэ. Ону кыайар киһи үгүс бултанар, үтүө Байанайдаах булчут ааттанар, — Дахха уолугар аа-дьуо кэпсии олорор. Киэһээҥҥилэрин аһаан бүтүүлэригэр Сэкэ, үлэх курдук: — Хайдах ойуурдааҕыны бултаабыккын кэпсээриий, — көрдөстө. Дахха уола кини кэпсээнин сэргээн, истиэҕин баҕарарыттан үөрэр: — Таах олоруохтааҕар ааспыты ахтыым, — сөбүлэстэ. — Эдэрчи эрдэхпинэ, биир саас, ыһыах эрэ иннинэ этэ. Кырдьаҕас биир биэбин тарпыта. Охторбут алааһыттан ойуурга, ычынык быыһыгар соспутун ытым ирдээн булларбыта. Таайдахха, ааспыт сайын сир аһа куһаҕаннык үүнэн, арҕахха элбэх хасааһа суох киирбит кырдьаҕас быстан, эрдэ арҕаҕыттан тахсан, ас көрдөөн хааман, дьиэ сүөһүтүгэр санаммыт быһыылааҕа. — Кырдьаҕас ол тугу кыстыгар хаһаанарый? — Сэкэ быһа түһэн ыйытар. — Ойуур кыылларыттан кырдьаҕас уратылара. Кини кутуйах, күтэр курдук кыһыннары сии сытар хаһаастаммат. Сайын устата уойан, сыа мунньунан, бэйэтигэр хаһаанар. Ол иһин кырдьаҕас булчуттар арҕахтан күһүөрү бултууллар. Саас сыата ууллан аҕыйыыр, этэ ыыланар. Хаһаастара тиийбэккэ саас эрдэ арҕахтан тахсар түбэлтэлэрэ хам-хаадьаа көстөн ааһааччы. Ардыгар, сайын ситэ уойбакка, арҕахха утуйа киирбэтэх хаамаайы кыһыннары бултаан аһыыр. Киһиэхэ-сүөһүгэ кутталланар. Хотоҥҥо кытта киирэллэр диэн кэпсииллэр. Түүлэрэ бүтүннүү мууһуран, туох да буулдьата хоппот буолар үһү. Өрөҕөтүн хайа тардан иһин сиэбит этэ. Мин ыһыах дьонун идэһэлиир сорудахтаах этим. Түүн охторбут быһыылааҕа. Сахсырҕа мунньуста илигэ. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, куттана-куттана түргэн үлүгэрдик астаан сымабар симним. Ордугун иккис сырыыга ылаары тириитигэр суулаан чөкөччү уурдум уонна бөһүөлэктээтим. Охторбут алааһа бөһүөлэктэн биир көстөн ордук тэйиччи сир. Ол күн иккиһин кырыныахпын салынным. Түүннэтииһибин. Сарсыарда эрдэ туран тобохпун ыла бардым. Сиэҥигэр тиийиэм биэрэстэ аҥаарын курдук сиргэ, эмискэ, хантан да баар буолбута биллибэккэ, аарыма адьырҕа айаҕын аппытынан, барар суолбар турунан кэбистэ. Атым туох да сибикини билбэккэ хааман дьакылдьытан испитэ да, эмискэ сиргэнэн туора ойуутугар сиргэ эһиллэн хааллым. Хата, иҥэкэбин атахпар кэппэккэ иһэн, атым ыҥыырыттан этэҥҥэ арахсыбыт этим. Туоһапкабын сүкпүтүнэн охтубутум. Адьырҕа икки атаҕар турара суоһурҕуурун бэлиэтэ. Оччоҕо иккиттэн биирин быһаарсаҕын. Эн эбэтэр кини. Ыксалынан саам сомуогун туруордум уонна бэлэһин көрөн ыттым. Кырдьаҕаһым баһын илгиһиннэ. «Халты ыттым, сиэтэр киһи буоллум», — диир санаа күлүм гынан ааста. Саабын иккиһин ииттэрбэр олус уһуннук халыкынайбыт курдук санаатым. Кырдьаҕаһым, мин көрдөхпүнэ, кэлэн түһүөн саараҥныы турар курдук. Айаҕын кыҥаан иккиһин ыттым. Кырдьаҕаһым олоро түстэ. Үсүһүн ыттым. Дьэ, аа-дьуо ойоҕоһунан сууллан түстэ. Дьэ, уоскуйдум. Сэрэйдэхпинэ, кырдьаҕас булдун тыыттаран, эрдэттэн манаан сыппыт буолуохтаах. Дьиэ сүөһүлэриттэн ордук сэргэхтэрэ сылгы. Айаҥҥа сылдьан куттал суоһуурун эрдэ билэн хаһыҥырыыр, хантаҥныыр, дьигиҥниир идэлээх. Ол кырдьаҕас манаһан сытарын тоҕо эрэ билбэтэҕэ. Тыалы утары, туораттан сыбдыйан кэлэн сыттаҕа. Атым барбыт, сиргэммит ат туруо дуо? Дьиэтин диэки түһүнүөхтээҕэ биллэр. Кырдьаҕаспын астаһа барбакка бөһүөлэкпэр тэбинним. Сарсын ыһыах күнэ буолан, бөһүөлэккэ дьон элбэх. Атым киһитэ суох, маах бөтөрөҥүнэн кэлэн аймалҕаны тарпыт этэ. Миигин көрдүү бараары тэриллэ сылдьаллара, хата тахса иликтэр этэ. Кутталбыттан бугуһуйан син түргэнник тиийбит буолуохтаахпын. Кырдьаҕаһы күһэллэн, оннук бултаан турардаахпын, — ахтыытын түмүктүүр. — Түүн ыраатта, таһырдьа тахса сылдьан баран утуйуох, кэлэр киэһэ аан маҥнай аҕабыныын тайахтаспыппын кэпсиэм, — Дахха бөрө тириитэ бэргэһэтин хаҥначчы уурунан таҕыста. Сэкэ хаалбат, аан сабыллыан иннинэ тахсыста. Сэкэ күнүс үлэлэһэ сылдьан, аҕатын кэпсээнин истэ охсоору, киэһэ буоларын кэтэһэр. Киэһэ аһаан бүтэн, утуйуохтарын иннинэ сололоох кэмигэр Дахха кэпсээнин саҕалыыр: — Ойуурдааҕыны бултаһыахпыт күһүнүгэр аҕабыныын тайахха бардыбыт. Икки аппытыгар төргүүбүтүгэр балаакка, тимир оһох, утуйар таҥастарбытын төргүүлэнэн, сымаларга ыһыкпытын ындыыланан иһэбит. Аҕам күһүн тайах хаайсыытыгар бултааччы. Онтон атын кэмҥэ ыппат идэлээҕэ. Икки ыттаахпыт. Улахан ытын Бахсыры сэтиилэнэр, эдэрэ Нокоо сиэтиллибэт, инники ирдии иһэр. Аҕам ыта сааһыран эрдэҕинэ ыт оҕотун ииттэн Бахсырын кытта сэргэ сырытыннаран булка үөрэттэрээччи. Ыттарын ааттыыра дьонтон ураты этэ. Кырдьаҕас ыта Бахсыр буоллаҕына, кыратын Нокоо диэн ааттыыра, Нокоо солбуһуга Бахсыр ааттанар. Ол курдук солбуһуннара ааттаан иһэр үгэстээҕэ. Мин да аҕам үгэһин тутуһабын. — Оттон биһиги эдэр ыппыт суох дии, — Сэкэ быһа түһэр. — Харыйалаахха киирэ сылдьан ыт оҕото үлэһиэхтээх этим. Булчут ыттар оҕолоро булчут буолар. Онон Архыыптаах ыттарын оҕотугар үлэх мэлдьи үгүс. Булт кэнниттэн киирэ сылдьан үлэһиэм этэ. Булчут сахаҕа хаһан да кэһиллибэт, булгу тутуһуллуохтаах үгэс баар. Аты, ыты, сааны, быһаҕы атыыта суох ылыллыбат. Бэлэх биэрэллэригэр кытта атыылаһар кэриҥинэн, тугу эмэ харда биэриэхтээххин. Өйдөөн кэбис. Саха булчутугар суруллубатах сокуон. — Атыытын биэрбэтэххэ туох буоларый? — Сэкэ ыйытар. — Булчут айаҕын булунар, ол аата ииттэр, аһатар тэриллэр. Орто дойдуга босхо аһаммат уонна Байанай төттөрү хайыһар дииллэр, — Дахха кылгастык быһаарда. Айаннаан истэхпитинэ, Нокообут сыт ылан сүүрэ турда. Аҕам: — Чугас турар буоллаҕына, сотору ыппыт саҥарыа, истэ ис, — диэтэ. Кырдьык, сотору соҕус Нокообут үрэр саҥата иһилиннэ. Ыт саҥатын истээт, Бахсырын ыыппыта Нокоо үрэрин хоту, быһалыы түһэ турда. — Бахсыр тайаҕы тохтотор курдук бэйэтигэр боотурҕатан, наллаан үрэр, үөрэнэ илик ыттар быһыта тыытыах курдук сабыта түһэн үрэн, үргүтэн ыыталлар, ыппыт оҕото үөрэниэ. Булчут буолар кэриҥнээх. Ыттар киһи тэҥэ үөрэнсэллэр, — онно аҕам быһаарбыта. — Ыт үрэр сиригэр тыал аннынан, булт сыты ылбатын курдук уонна түргэнник барыллар. Эһэкээнэ биэрбэккэ күүттэриэ суоҕун сөп, — атын хаҥас диэки салайа тутта уонна күүскэ соруйда. Бахсырбыт саҥата үчүгэйдик иһиллэр буолбутугар тохтоон аттарбытын маска баайдыбыт. — Хаалбакка ситэн иһээр, — диэт, аҕам инники сүүрдэ. «Хайдах этэрий, эдэр киһи алта уончалаах аҕабыттан хаалыам дуо?» — дии санаатым. Маҥнай утаа ыган истим. Иннибитигэр уот сиэбит куруҥун лааҥкыта кэллэ. Туора-маары охтубут мастары ойуолуурбар ычахтаттым. Аҕам көстө куотта. Ойуолуу сылдьан самахпыттан ыйанан олорон, аҕам хайдах барарын көрдүм. Мин курдук ойуолаабат, мастан маска үктэнэн дэгэйэн иһэр эбит. Үтүгүннүм. Аҕабын дьэ ситтим. Киһи кыһаннаҕына көрөн да үөрэнэр. Тиийдибит. Бахсырбыт чугаһыы-чугаһыы куотан биэрэн сырыһыннаран, үрэ сылдьар. Нокообут суох. Тайах ыппытыгар боотурҕаан уҥа-хаҥас сырсан күлүкүлдьүйэ сылдьар. Биэс уонча хаамыылаах сиргэ чугаһаатыбыт. Тайахпыт билбэт. Аҕам ытта, саата эспиэскэлээн «пас» гынна: — Ытыалаа, — миигин соруйда. Урут үөрэппитинэн туоһапкам ботуруоннарын тииспэр кыбыттым уонна онтон ылан ииттэн, ытыалаан бардым. Табабын эрэ таппаппын, тайаҕым кыһаллыбат. Биэстэ ыттым. Кэмниэ кэнэҕэс, аҕам бэрдээҥкитэ ытардыы тыаһаата. Тайахпыт икки илин атаҕар тобуктуу түстэ, онтон олохтоохтук суулунна. Аҕам иһиллээн турбахтаата: — Нокоо атыырыныын барсыбыт. Бахсырдыын көмөҕө барыахпыт. Мин сатыа суохпун билэн, саҥата суох быһаҕын сулбу ойутан таһааран тайаҕын тобуктарыгар диэри тыстаата уонна: — Эн астыы тур. Туоһапкаҕын аҕал, илдьэ барыам. Улахан саа ардыгар эспиэскэлээн кээһэр идэлэммит, — икки сааны сүгэн ыт саҥатын диэки сүүрдэ турда. Бахсыр иччитин кэнниттэн ыҥыттарыыта суох түһүнэн кэбистэ. Соҕотоҕун булпутун кытта хааллым. Инники тайаҕы астаспатаҕым, билбэппин. Идэһэни хайдах сүлэллэрин көрөрүм. «Тайах тириитин этиттэн араарыы ынаҕы сүлүүттэн уратыта суох ини», — диэн санаам хотон, идэһэлии астаатым. «Биэстэ ыппытым тухары хайдах биирдэ да таппатахпыный?» — дьиктиргээн сүлэ туран, буулдьа суолун чинчийэбин. Аҕам буулдьата хонноҕун аннынан сүрэххэ түспүт. Мин биэстэ таппыппын. Буулдьаларым суолларын буллум. Бары искэ түспүттэр. Ханнын хойуутун ааспатахтар. Тириитин, тараһатын этин, ханнын тэспиттэр. Ол табыллыыны уоҕар балыйтаран билбэтэх. Аны туран, сүөһү иһин хайдах хостууру өйдөөн көрбөтөх эбиппин. Өрөһөтүн устунан хайыппытым, ханна былтарыс гынан таҕыста. Быттыгынан тараһатын туора хайытыллыахтааҕа өйбөр киирбэт. Хайдах иһин хостуурбун толкуйдуу турдахпына, аҕам барбыт хайысхатын диэкиттэн киһи сөтөллө сатыы-сатыы куһаҕан баҕайытык хааҕыргыыра иһиллэр. «Аҕам туох буоллаҕай?» — диэн куттанан, утары бараары, саҥа диэки көрөн кэтэһэн турдум. Талахтар быыстарыттан атыыр тайах хантаччы туттан көстөн кэллэ. Айаатыы-айаатыы, эҥтэрэ иһэр эбит. «Атыыр тайах тыһытыттан көҥөөн киһини тэпсэр үһү», — диэн кэпсииллэрин үһү-бадах истэрим. Уҥа-хаҥас олоотуу-олоотуу, аа-дьуо мин диэки кэлэн иһэр. Куотар санаалаахпын. Ханна? Утары өттүгэр көрбүтүм — биир тайах сылдьар эбит. Астыыр тайаҕым сытар сириттэн биэс-алта хаамыы тэйиччи уот сиэбит остуолба саҕа үрдүктээх муҥулах мас турарын көрдүм. Онно ыттан төбөтүгэр тахсан, маспын кыбыйан олордум. Тайах анныбар кэлэн турар. Быһахпынан сүнньүгэ быраҕыахпын баҕарабын да, таба бырахпаппын билэбин. Сүлүллэ сытар тайаҕы көрбөт, үөһэнэн хантаарыҥныы сылдьар. Салгын хамсыыра хайысхатын уларытан, сыт ылла быһыылаах, туора ойдо уонна атаран тамайа турда. Маспыттан тустүм. Ол икки ардыгар хараҥаран барда. Аҕам боруҥуй буолуута тиийэн кэллэ. Ыттара тохтоппотохтор үһү. Кэлэн тайах иһин хостоото. Төннүөхтээх сирбит быттаҕа бэрт, арыый сырдыкка лааҥкыны туораары уонна балааккабытын туруоран, хонор отуубутун оҥосто охсоору аттарбытыгар ыксаатыбыт. Ситэ өйдөөбөккө, ардыгар киһи куттаныа да суохтан куттанан, онно-манна түбэһиэн сөп. Туохха барытыгар ырыҥалаан толкуйдаан дьаһанар буол, доҕор, — Дахха кэпсээнин түмүктээтэ. Дахха уолунуун күрүө туппуттарын таһынан, үүтээннэрин икки түннүгүн тайах харынынан бүрүөтүн таһынан, көлүйэттэн муус суоран ылан туруордулар, үрдүн буорун халыҥаттылар, сайын бэлэмнээбит харыйа хатырыгынан самыыр хоппотун курдук саптылар, умуһаҕын ытыыстаатылар. Үлэлэрин быыһыгар мас көтөрүгэр, куобахха туһахтыыллар. Биирдээн-иккилээн айахтарыгар сииллэр. Киэһэ аһылык кэнниттэн наҕылыйан сыталлар. Дахха эдэр сылдьан аҕатын кытта, онтон бэйэтэ бултаспыт түгэннэриттэн кэпсиир. Киэһээҥҥи кэпсэтиилэртэн иккиэн астыналлар, ол кэпсэтиилэр кинилэри ордук чугаһаталлар, арахсыспат ситимнииллэр. Аҕата уолун булт абылаҥар уһуйар, Сэкэ булт сыратын билсэр.
Уһук Уйбаан
5 чааһа (МУНУУ)
Күнтэн күн ааһан, түүлээх ситэр кэмэ кэлэн, тииҥнээбиттэрэ аҕыйах хонно. Дахха күһүҥҥү булка уолун бэйэтин кытта илдьэ сылдьан булт ымпыгар-чымпыгар үөрэтиэхтээх. Чугаска сатыылыыллар. Булда чордонноҕуна ырааҕынан эргийэ баралларыгар аттаныахтаахтар. Ону да оҕом эстиэ диэн. Бэйэтэ үксүн сатыы бултааччы. Ат булду сонордуурга боҕуу диэн ааттыыр. Саһылга, киискэ тэйиччи сиргэ, аара бодьуустаабакка көнө хапкаан иитэ, көрө барарыгар атын миинэр. Кыстык хаар түһэрэ лаппа хойутаабыт сыла. Бокуруоп ааһыыта сир кырсын маҥхата, кыыл-сүөл суола-ииһэ көстөр эрэ курдук түспүтэ. Киһини дьэгдьитэр тымныы түһэ илик. Бултаамахтаан хаалыҥ диирдии, Баай Байанай күнүн-дьылын оҥорон турар кэмэ. Бүгүн үүтээннэриттэн хотулуу-илин тахсыбыттара. Халлаан дьэ хаардаары күн ортотуттан саҕалаан, былытынан ыанньытан дьиппинийэн иһэр. Мэҥэ халлаан муҥур уһугун була сатыырдыы, ып-ыраас көй салгын көҕөрүмтүйэ ыраатар киэлитэ саба бүрүллэн, киһи кутун-сүрүн баттыыр. Тулалыыр эйгэ тугу эрэ иһиллии күүтэрдии иһийэр. Мэлдьи тугу эрэ сипсийэн сэһэргии турар аар тайҕа кытта чуумпурар. Көтөр-сүүрэр сүүрэн-көтөн мээнэ сыбыытаабат. Арай эрдэлээн уйаларыттан ырааппыттар, быһа төннөллөр. Сэниэлээхтик, киһи астынар курдук хаардаан барбат, түүмэх кыраһанан аат харата кыыдамныыр. Үөһэ, суорҕан былыт быыһыгар дьэрэкээн, оһуор ойуу буола оҥоһуллубут хаар сэдэх кырадаһыннара сиргэ түһэн кыстыахтаах оннуларын буларга ыксаабакка, эргичиҥнии, тэлээриҥнии оонньууллар. Маннык кэми, күөгэйэр күннээх эдэр саастарын саныы-саныы, түннүгүнэн одуулаан олорор кырдьаҕастар: «Киһини уҥуоҕурҕатар күн-дьыл», — диэччилэр. Даххалаах даҕаны бүгүн эрдэлээн үүтээннэрин туһаайыытынан төннөн иһэллэр. Сарсыарда, саҥа хататтаммыт хотуур кылаана күҥҥэ субуйа кылбайан көтөрүнүү, илин саҕахха сырдык биллиитэ туран, дьып-дьап суунан-тараанан, сып-сап аһаат, өссө боруҥуйга үүтээннэриттэн тахсааччылар. Ол оннугар үүтээннэригэр сырдыкка кэлэллэр. Үүтээннэригэр да олоро түһэн ылбаттар. Дьиэ үлэтин тэҥҥэ дьаһайаллар. Күөстэрин уокка өрө ууран баран, тииҥнэрин сүлэллэр, субатын ыраастаан аргыга хатара ыйаталыыллар. Сэрии кэнниттэн табаарынан хааччыллыы чөлүгэр түһэ илик буолан, бары-барыта кэмчи, тиийиммэт-түгэммэт кэм. Тимир тоһоҕо да кырыымчык. Дахха тииҥнэрин тириитин хатара ыйыырыгар аҕатын албаһын туһанар. Оҥоһуута судургу. Үүтээн эркиниттэн эркинигэр диэри уһуннаах аргы маһы тордуохтарга ыйыыр. Аргыга чүүччүнэн үүттээн синньигэс мастары туруору саайталыыр, онтуларыгар тииҥнэрин тириитин айахтарыттан ыйаталыыр. Онтун өбүгэ үөрэҕин туһаныы диэн ааттыыр. Бэлиэлээххэ, солоҥдоҕо бэлэм киэптэрэ баар эрээри, соло буллулар эрэ саҥаны оҥороллор. Хаһааска эбии уонна уолун туттарга үөрэтэ таарыйа кыччайаллар. Дахха идэтинэн инники иһэр. Ыксаабат, уола сөпкө хааман ситэрин курдук барар. Сэкэ тугу эмэ ыйытаары гыннаҕына сэргэстэһэ түһэр, үксүн кэнниттэн аҕатын суолун олук үктүүр. Дахха уолун кытта бииргэ сырыттаҕына тугу эмэ кэпсиир, айаҕа хам буолааччыта суох. Ол үгэһинэн: — Дьэ, доҕор, тыаҕа сылдьар киһиэхэ биир сүрүн ирдэбил баар. Ол мунаахсыйбат буолуу. Бултуур киһи хаһан да барбыт суолунан төннүбэт. Тиийбит сириттэн отуута хайа хайысханан баарын билэн быһа тиийиэхтээх. Булчут сарсыарда хайа диэки тахсан барарын, ханнык сискэ сылдьыахтааҕын, төннөрүгэр отуута хайа хайысханан баарын чопчу билэн сылдьыахтаах, — салҕыы саҥарыан иннинэ Сэкэ быһа түһэн: — Тииҥ уйалыы ааспыт, уйата чугас буолуо, суоллуубун дуо? — диэн ыйытта. Дахха уола көрдөһөрүн аккаастааччыта суох. Бүгүн тоҕо эрэ, туох диэҕин саарбахтаабыттыы, саҥата суох тохтоон турбахтаан баран: — Ыраатаайаҕын. Кэлин ылыахпыт. Төннөргөр суолгунан кэлэн, мин суолбун батыһаар, — эппитин өссө чиҥэтэрдии, — сотору төннөөр, хаардаан эрэр суолу саба түһэн кээһиэ, — Дахха үүтээнин диэки хайысханан аа-дьуо хааман барда. Итиччэ көҥүлү ылаат, Сэкэ тииҥи суоллаан ойо турда. Ыта суох, инники баран уйатыгар тиийэн сыттаҕа. Бахсыр улахан булчут аатырар ыт. Булка барытыгар бэрт. Тугу бултаһыахтааххын билиэ кэрэх, суоллаһан барар. Дьиктитэ, тииҥнии сылдьан куобаҕы сырса сатаабат. Сай ортото тииҥҥэ наадыйбат. Туох барыта куһаҕаннаах, үчүгэйдээх буоларын курдук, биир дьикти киэптээх. Иччитэ отуутугар төннөр сибикитин билээт, дьиэтигэр уруттаан баран хаалар. Сөбүн бултаатыбыт, сынньаныахха диир курдук. Хата, күнү быһа бииргэ сылдьыбытын умнубуттуу, эккэлии-эккэлии утары сүүрэн кэлээччи. Сэкэ сылаас суолу булла эрэ ыттана сатаабат киһи. Тииҥҥэ хонуктуу барардыы, тохтообокко көнөтүк барар, дьиктитэ, муҥунан ойон иһэр. Уол булчут киэбин киллэрэн, суоллаан баарынан-суоҕунан сүүрэн барбахтаспытын кэннэ, аны киис суола кыттыста. Тииҥ киистэн тыынын куоттаран кыаҕа тиийэринэн баран иһэрин, дьэ өйдөөтө. Киис ойоҕолуу, күөйэ түһээри быһа бардаҕына, суола арахсар эбит. Икки түүлээҕи бииргэ бултаары, Сэкэ сүүрэрин эбэн биэрдэ. Бултаһыы абылаҥа кутун-сүрүн өрүкүнэтэн, сырдыкка үүтээнин булуохтааҕын таһыччы умнан кэбистэ. Киис күндү түүлээҕин билэр. Аҕата киис бултаатахтарына үөрэн: «Байанайбыт бэлэхтээтэ, ээ. Барахсаны», — кииһин имэрийбэхтээччи. Сэкэ сүүрэн маҕыйан иһэн, киис өлөрөн, аҕатын үөрдүөн олус баҕаран кэллэ. Аҕата мичийэн турара хараҕар бу көстөн кэллэ. Ситэттиир санаата өссө күүһүрдэ. Киис олус ыраатыннарбатах буолуохтаах, тииҥ ситтэрээри ыксаан маска ыттыбытын, онно киис сырсан тахсыбыт буолуохтаах диэн быһаарар. Иккиэннэрин биир мастан ытан ылар толкуйдаах. Тутан сиэн иннинэ баттаһар баҕата кымньыылаан, сүүрэрин эбэн биэрэр. Биирдэ өйдөммүтэ боруҥуй буолан эрэр, эбиитин эмэһэҕэ тэп диэбиттии, саба баттыахтыы халыйбыт былыттар: «Хайатын күүттэрэн, биэриэҕи биэрэн кээһиэххэ», — диэбиттии, омуолаан эттэххэ, бадараан маҥан үрүмэччилэрин саҕа хаардар, биэс хаамыылаах сиргэ турар мас көстүбэтинии хойуутук, тэлээриҥнии көттүлэр. Үүтээнин баар хайысхатын булан барар кыаҕа суоҕун дьэ өйдөөн ыксаата. Маҥнай утаа, хайа диэки барыан билбэккэ, биир сиргэ эргичиҥнии турбахтаата. Эмискэ аҕата: «Бүгүн үүтээммититтэн хотулуу-илин тахсабыт», — диэбитэ өйүгэр охсулунна. Ол аата арҕаа барар эбиппин диэн быһаарынна. Тайҕаҕа сылдьан хайысханы сирдэтэр ыйа-күнэ көстүбэт. Саҥатык үүс бэргэһэтин хаҥначчы анньан, кэтэҕин тарбаммахтаата. Ол туран: «Мас соҕуруу өттө ордук хойуу лабаалаах буолар, тоҕо диэтэххэ күн уһуннук көрөр», — диэн хаһан эрэ аҕата кэпсээбитин санаан кэллэ. Ойуччу турар суон тиити, соҕуруу өттүн быһаара сатаан, үөһэ кирийэн олорор тииҥи көрө сатыырдыы, тула эргийэн, өрө мыҥастаста. Үчүгэйдик көстүбэт. Арҕаа дии санаабыт хайысхатынан иннин хоту арыый сырдык эрдэҕинэ сир ылбахтаһар санаанан, кыаҕа баарынан тэбиннэ. Кырдьаҕас булчуттар: «Аар тайҕа иччитэ улуу булчуттары өйдөрүн баайан муннарар, онон өйү-төйү булунан баран барыллар», — диэн сүбэ курдук домохтоохторун хантан ылыныай, оҕо оҕото өтөн субу үүтээнин булуох санаалаах. Кэм турбат, сотору «харах тэстэр» хараҥата сатыылаата. Сэкэ, сылайан да, көстүбэтиттэн да субу-субу иҥнэн умса хоруйар, маска анньыллар буолла. Тохтуоҕун санаата буолбат, туох эрэ иннин диэки үтүрүйэр. Бара сатаан баран, сэниэтэ эстэн, иҥнэн охтубут, сиҥнэстэн сытар маһыгар олордо. Санаата барыан баҕарар, этэ-сиинэ хамсыан баҕарбат. Ол олорон устунан нухарыйан, олорбутунан утуйан хаалла. Уһукта биэрэн, хараҕын аспыта — үүтээнин көмүлүөгэ тыһыгырыы умайбат, аҕатын табаҕын буруота муннугар саба биэрбэт, төгүрүччү тунал хаар. Бастаан утаа хайдах ойуур ортотугар соҕотоҕун олорорун өйдөөбөтө. Хаар түһэрэ тохтооботох, хойдубукка дылы буолбут. Тоҥмотох, хата көһүйбүт быһыылаах, бары быччыҥнара быһыта барыахтыы тардыһаллар, хамсыахтарын баҕарбаттар. Олоруо дуо, аа-дьуо туран тыыллаҥнаата, наллаан илиитин-атаҕын хамсатта. Улам быччыҥнара тардыһаллара сүтэн, дьэ, чөлүгэр түстэ. Аччыктаабыт. Куттаҕа курулуйар. Дахха бултууругар күнүс өллөнөргө ыһыктаммат идэлээх. Быйыл оҕолоох буолан, маҥнай утаа ыһыктанар. Буспут булт этэ, лэппиэскэ, чэй, туус ылан Сэкэтигэр сүктэрэр. Тохтоон кыра солуурчахха хаар уулаан эбэтэр муус көйөн чэй оргутуналлар. Дахха бэйэтэ аһаспатын кэриэтэ, булт сонорун кэмигэр аһыы түһэн, этин-хаанын үөрэппэт баҕалаах. Онон Сэкэ күнүскү өллөнүү тойоно буолан сылдьар. Уолун да күнүскүлэммэккэ сылдьарга налыччы үөрэтэр санаалаах. Сэкэ ботуоҥкатыттан аһылыгын тобоҕун ылан аһаата. Тото аһаабатар да, «тирк» гына түстэ. Хоммут маһыгар олорон, сирэйин икки ытыһынан саба, төҥкөччү туттан олорон толкуйдаата. Халыҥ хаар түһэн, аҕата да, ыта Бахсыр барахсан да суоллаан булбаттар. Олордоҕуна, киэҥ тайҕа быыһыттан ким да чопчу кэлэн булбатын, үүтээнигэр бэйэтэ эрэ тахсыахтааҕын өйдөөтө. Туран хаары оймоон иннин диэки ыксаабакка хааман барда. Хаар түһэрэ тохтообот, санаатыгар түһэрэ хойдубут курдук. Сынньана түспэккэ, күннүктээн хаамта. Тохтоон, хараҥарыан иннинэ хонугун оҥосторго быһаарынна. Утуйан турарга табыгастаах сир көрдөөн, биир аарыма тиит сиҥнэн сытарын булла. Силистиин, кырыстыын түөрүллэн, отуу биир эркинэ бэлэм сытар. Биир эркинигэр бэрдьигэстэри бысталыахтаах. Кыыннаах быһаҕыттан, туоһапкатыттан ураты туттар сэбэ суох. Сүгэччэтин аҕата куругар иилинэн, бэйэтэ илдьэ сылдьар. Титириктэри, бэрдьигэстэри бүк баттаталаан иэҕэн сытан быһаҕынан суол таһаардаҕына, үчүгэйдик тостон үлэтин арыый чэпчэтэллэрин туһанна. Үлэлээх да буоллар сытыары отууга сөбү быста. Титириктэрин өйөннөртөөн баран үрдүлэринэн бэрдьигэстэрин саба уурталаата. Тас өттүттэн хаарынан кыһааҥкылаата. Сытар сиригэр кулуһунун сылаас күлүн кутан баран тэлгээри, бэрдьигэс лабааларын бысталаан бэлэмнээтэ. Аһыыр аһа суох сатамматын билэр. Өйүөтэ бүппүтүн тэҥэ, ытыһын саҕа лэппиэскэ ордубут. Ботуоҥкатыгар, тыаһыт киһи киэбинэн диэн аҕата тэрийэн укпут тууһа, испиискэтэ баар. Бэҕэһээ өлөрбүт биэс тииҥин сүгэ сылдьар. Тииҥин буһарынарга сананна. Кулуһун оттон, ол сырдыгар тииҥин сүлээри ылбыта, токуччу бөһүйбүттэр. Кутаатын кытыытыгар маска уурталаата. Кулуһун сырала сотору ириэртээтэ. Бэһиэннэрин сүлэн, ортолорунан бысталаан, түөрдүн ботуоҥкатыгар төттөрү укта, биири солуурчаҕар хаар уулаан буһара уурда. Аһаары олорон уотун аһатарын умнубата. Хата, мастарын тоһуталыырыгар иччилэриттэн көрдөһүөхтээҕин умнубут. Аны тоһутарбар бииргэ көрдөһүөм дии санаата. Уотугар бэрсэригэр туох диэхтээҕин билбэт эбит. Тугу этиэҕин толкуйдаан тура түстэ, онтон: «Аал уотум, миигин кытта аһас», — диэн судургутук этэн таһаарда. Аһаан бүтэн, кулуһунун күлүн хайдах көһөрөр толкуйга түстэ. Баһан ылара суох. Ыраах тыаҕа хантан баһарга сөптөөх хаптаһын, ылтаһын курдук мал кэлиэй. Олорбохтоон баран, дьэ тобулан, солуурчаҕынан баһарга быһаарынна. Күлүн үрдүнэн лабааларын тэлгэтэн, түүрүллүөҕүнэн түүрүллэн, быста сылайбыта өтөн, сытаат утуйан хаалла. Айылҕа оҕотун, Сэкэни сылаас уутун биэбэйдиирдии, хаар тохтообокко, түһэн намылыта турда. Ичигэс, тоҥмот. Бары кыһалҕатын умнан, үтүө түүлү көрөн, уутун быыһынан туохтан эрэ үөрэн, мичиҥнии сытта. Үүтээнигэр уһуктар кэмигэр уһугунна. Ааспыт сарсыарда соһуйбутунуу, отуутун атыҥырыы көрбөтө. Сэкэ саҥа сүрүннэнэр кута-сүрэ, уол оҕо дьылҕата, олох охсууларыгар уйадыйбат хатан буоларга бэлэмнээбит кыһалҕанан ыйытыга ыган кэлбитин ылыннаҕа. Уонна орто дойдуга олоро кэлбит киһиэхэ Айыы Тойон Айылҕа айарыгар ыйан ыыппыт ол дьылҕата сиэтэн истэҕэ. Ким билиэ баарай, Дьылҕа Хаан бу орто тураан дойдуга ханан сирдээн илдьиэҕин. Олоҕуҥ ханнык эрэ кэрдиис кэмигэр уйаны-хатаны тургутан көрөн, кимҥин-туоххун билэн, удьуор хаан сыралын олохтоон биэриэ турдаҕа.
Дахха үүтээнигэр тиийэн уотун оттон күөһүн өрөн, тииҥнэрин сүлэттии олорон, уола тоҕо олус хойутаабытын, туохха тутуллубутун таайа сатыы олордо. Мунарын туһунан өйүгэр оҕустарбат. Бэйэтэ ханна да муммат киһи, уолун эмиэ тыаҕа сылдьарга үөрүйэҕинэн ааҕар. Күөһэ оргуйуута, таһырдьа көҕүрэттэ тахса сылдьан, дьэ ыксаата. Хаар көстүөҕү да көрдөрбөттүү хойуутук түһэ турар, харах тэстэр хабыс-хараҥата. Киирэн таҥнан уолунуун арахсыбыт сирдэригэр диэри утары барарга оҥоһунна. Бултуур ботуоҥкатын, саатын сүгэн, ытын ыҥыран, им-балай уораҕайыгар киирэн сүтэн хаалла. Киһитэ кини буолан, атаҕын иминэн сирдэтэн кэлбит суолунан барыа буолуо. Ханна баарын биллэрэрдии, сотору-сотору сэниэлээхтик ытын ыҥыран саҥа таһаарар. Тутуспут хайысхатын, хаампыт кэмин сэрэйэн суоттаан арахсыбыт сирдэригэр быһа холоон тиийдэ быһыылаах. Бүтэй хараҥаҕа, аар тайҕаны кэтэ ханна салҕыы барыай. Тохтоон уоскуйа түстэ. Уолун үөгүлээн ыҥыран иһийэн турар нуһараҥ чуумпутун аймаата. Илиитин иминэн тиит мастар алларааҥҥы хаппыт абырҕал мутуктарын хомуйан уот отунна. Ол сырдыгар куруҥах маһы булан охторон, мастаан уотун улахан кулуһун оҥордо. Уот умайар сырдыга күрэнэрин ыраахтан көрөн, сирдэтэн кэлиэ дии санаан, халлаан сырдыар диэри кулуһунун сөҕүрүппэтэ. Сырдаабытыгар арахсыбыт сирдэрин бэлиэтии көрбүт өкө маһынан сирдэтэн булла. Уола барбыт хайысхатынан, күүтэн олороругар тиийиэхтии, тэтимнээхтик хаампытынан барда. Күнү быһа уолун ыҥыра-ыҥыра, чугас эргин сырытта. Бахсыр аттыттан арахпат. Бултаабакка атын сорукка сылдьалларын билэр быһыылаах. Дахха олоҕор төннөн, сарсыарда атын миинэн, көрдүүргэ быһаарынна. Арыый сырдык эрдэҕинэ үүтээнин булаары, киэҥ-киэҥник атыллаталаан хаар тумарык ортотунан, лиҥкир мастар быыстарынан нөрүгүлдьүйдэ. Барар туһаайыытыттан туораабат эрэ соруктаах. Олохсуйбут сирдэрин чугас эргимтэтигэр тиийдэҕинэ, сирдэтэр бэлиэлэринэн үүтээнин булар. Хонугар ыар санааҕа үүйэ туттаран, түүнү быһа эргийэ-урбайа бүдүк-бадык сытта. Сырдыыта, аанньа утуйбатар да, туран кэллэ. Кини сүрэҕэ сэрэйэринэн, санаата бөҕөх. Сэкэ ыалдьыбакка, этэҥҥэ сылдьар буоллаҕына, өлөн-охтон биэриэ суохтаах. Халлаан ичигэс, тыаҕа сылдьарга тэрилэ ситэри, таҥаһа ичигэс, сиргэ отууланан хонон турары сатыыр, онон хайа диэки сылдьарын билэр киһи буолуохтаах диэн өйүн-санаатын бүдүгүрдүбэт эрэллээх. Бу уһун хаар кэлбэтэҕэ буоллар суоллаан ситиэхтээх этэ. Халлаан туран-туран баран, соруйан оҥорордуу, кыстык хаарын биирдэ саба түһэн кэбиһэргэ санаммыт. Быыстаан силлиэ да түспэт. Аатыгар аһаабыта буолла, айаҕар ас да киирбэт. Хомунан, атын миинэн, ытын илдьэ уолун көрдүү тиэргэниттэн таҕыста. Дахха хантан билиэй, уола отой атын хайысханан барбытын, оттон кини төттөрү өттүгэр көрдүүрүн. Биир хайысханан сылдьаллара буоллар, баҕар, таба хаамыа этэ. Биир күн өссө ааста. Хараҥарыыта үүтээнигэр кэллэ. Бахсыр урукку идэтинэн, эрдэ дьиэлээбэт, сэргэ сылдьар. Хараҥаҕа кини иччитин сирдиирин билэр. Дахха ата да, ыта да үүтээнин булалларыгар саарбахтаабат. Хаста да түүннэппитигэр иччилэрин отуутугар тиэрдэн тураллар. Бу да сырыыга Бахсыр бастаата, Даадар кэнниттэн, тиийэн сынньана охсоору, улгум хаамыынан, соруйтарыыта суох, хааман дьалкыйдьытар. Дахха маска иилиллибэт баҕаттан ыҥыырыгар умса түһэн олорон, ону-маны эргитэн аҕалан саныы истэ. Саха булчут киһитин арахсыспат эрэллээх доҕотторо ыт уонна ат иччилэрин өлөр өлүүттэн элбэхтэ быыһаабыт буолуохтаахтар. Иннэ-кэннэ биллибэт лиҥкир мастаах тайҕаҕа сылдьан, айылҕаларын ыйааҕынан тохтообут сирдэрин, сытынан сирдэппэккэ, сэрэйэн булар дьикти айылҕаттан дьоҕурдаахтар. Дьэ дьикти, айылҕа оҕолорун араартаан анаан айан биэрэр уратылаһар дьоҕура. Киһиэхэ толкуйдуур өйү кэрэйбэккэ бэрсибит эрээри, ыт, ат курдук эт-хаан сэрэйиитинэн отуутун булар кыаҕа суох. Дахха орто дойдуга олорорун тухары ойууру кэтэн сылдьар киһи ханна да муннарбат эрэллээх доҕоттордоох. Оттон Сэкэ — оҕо, соҕотох уонна ситэ айылҕаны кытта эн-мин дэһэр курдук алтыһа илигиттэн муннаҕа. Арба, аҕата кэпсиирэ, үөйбэтэх-ахтыбатах сир ийэ киэҥ уорҕатыгар биллэн ааһааччылар. Киһи өйүн-төйүн булкуйар сирдэр баар буолаллар диирэ. Үүтээнин түүн ортотун диэки буллулар быһыылаах. Дахха күөстэнэ эҥин барбата, оһоҕун оттон, чэй оргутунан, тобох-ибэх хаалбытынан үссэннэ. Аһыыр баҕата суох, сыҥалаан аат-харата ыстыыр. Өйө-санаата уолугар. Хараанайыгар төннөн, уолун сүтэрбитин кэпсээтэҕинэ Балбааратын иэдэтэр. Икки уолун сүтэрбит сүрэх баастаах ийэ кыра баар-суох уолуттан маттаҕына сүрэҕэ тулуйара саарбах. Быһа Күрүөлээххэ тиийэн тыллаан туһанара суох. Булт саҕана кыанан көрдөһүөх дьон тыаҕа сырыттахтара уонна бу диэки сири-уоту киниттэн ордук билэр суох. Дьиэтигэр төннүбэккэ, көрдүүргэ сананна. Хаар тохтоотоҕуна суолун булуо, кини онно эрэнэрэ, арыый көхсүн кэҥэтэр. Сарсыарда туран эдэр атын миинэн көрдүү барыахтааҕын санаан, ойон туран күөс бэлэмнээн барда. Астаах сырыттаҕына сатанар, уола хоргуйдаҕа, буллаҕына уот оттон аһатаары отууланар тэрилин илдьэ сылдьарга бэлэмнээтэ. Үс түүннээх-күн тохтообокко түһэн, киһини тобугунан халыҥнаах кыстык хаар сири-дойдуну саппыта. Дахха уонча хонук өрө-таҥнары сылдьан көрдөөбүтэ, уолун суолун таба хаамтарбатаҕа. Дьаныһан бултаабатаҕа, суолугар түбэспит булду ытан ылара. Кэнникинэн кыһын бэйэтин биллэрэн тымныйан, киһи, сүөһү тыынын бурҕачытан барбыта. Дахха ыар сүтүк сүрүн баттаан, нүксүччү түһэн, кыччаабыкка дылы буолбута. Кини Саха Сирин кыырыктаах кыһыныгар киһи уһуннук этэҥҥэ сылдьыбат кытаанах кырдьыгын билэрэ. Санаата буолан көрдүүрүн тохтотор кыаҕа суоҕа эрээри, күһүҥҥү булт бүтүүтэ, үгэһинэн Хараанайыгар төннүбүтэ. Ол эрээри, уолум тыына быстан, ханна эрэ токуччу тоҥон сытара буолуо диэн санаа киирбэт, киирдэҕинэ да кыйдыыр. Уолун, Сэкэтин, сүтэрбитин итэҕэйбэт. Кута-сүрэ тыыннааҕар бүтэйдии эрэнэр. Атын оройуон булчуттарын булуон сөп. Бултуу таарыйа аҕалан биэриэхтэрин, үүтээнэ хайа диэки баарын билбэтэ мэһэйдээтэҕэ. Илдьэ сылдьан, бултаан бүтэн дойдуларыгар тиийдэхтэринэ, суол булан Харыйалаахха дылы ыытыахтара диир санаа арахпакка аргыстаһар. Эрэл кыымынан саҕар. Санаа-оноо, кут-сүр ситэрсэр-толорсор арахсыспат бииргэлэр эрээри, чахчы бу көстө буоларынан мэлдьэһиннэрбэт, бэйэтин дьайыытынан кинилэри аа-дьуо сааһылыыр, ылыннарар. Дахха: «Дьылҕата оннук буоллаҕа, дьылҕаттан куотуллубат», — дии санаан уоскутунар. Уола Сэкэ тииҥ ыта баран баран, хаарга баттатан, мунан сүппүтэ кыларыйар кырдьык.
Хаар түһэрэ тохтооботох. Ити тухары хайдах уйунан, былыт буолан көтө сылдьыбыттарай диэх курдук, иккис күнүн хаар түһэр да түһэр. Сэкэ бэҕэһээ киэһэ икки тииҥи буһарымматаҕыттан кэмсинэ санаата. Күөстэнэ олоруо дуо, туран тыыллаҥнаан, сирэйин тэлээрэ сылдьар сыа хаарынан суухханан, олохтоохтук уһугунна уонна хаампытынан барда. Санаатыгар арҕаа хайысханы тутуһар. Элбэҕи хаамта. Хаһан эмэ тохтоон охтубут мас түбэстэҕинэ олорон сынньана түһэр. Оҕотук санаатыгар, билигин даҕаны үүтээнин булар санаалаах. Дьиҥэр, үүтээннэрин муммут киэһэтигэр хоту өттүнэн ааһа барбыта. Билигин хотулуу-арҕаа хайысханан үүтээниттэн тэйдэр-тэйэн иһэр. Суолугар туох да булт көстөн ааспат. Кинилэр даҕаны ардаҕыргаан кирийэн сыттахтара. Бүгүн олус хараҥардыбакка хонор отуутун оҥостон бүтэрэр курдук, эрдэ тохтоото. Бэрдьигэстээх эбэтэр харыйалаах сиргэ булан хонор. Бу сырыыга икки суон бэстэр сэргэстэһэ туралларын булан, икки ардыларыгар сис мас ууран, онно бэрдьигэстэрин өйөннөртөөн отуутун оҥордо. Бу сырыыга икки тииҥи буһарда. Аһыы олорон дьэ өйдөөтө муммутун, аҕатын булар кыаҕа ааспытын. Дьону көрсөр эрэ сорук туруорунна. Хаар түһэрэ тохтоотоҕуна, булчуттар суолларын таба хааман, ону суоллуур санааланна. Аһыгар да кыһайтарбат санаалаах. Биир хаа ботуруоннаах, булка түбэһэ түһэн бултуйуом диэн эрэнэр. Төрдүс хонугун сарсыарда уһуктубута, халлаан хаһан да хаардаабатахтыы, чэмэлийэ ырааһыран, киһи хараҕын үөрдэр күөҕэ арыллыбыт. Сэкэ бу сарсыарда бүтүгэс тииҥин этинэн өллөннө. Аны дьону булуоҕунааҕар бултуйан, ас булунара булгуччуланна. Лиҥкинэс тииттэрдээх сиһинэн баран иһэн, бадаҕа, Байанай киниэхэ анаан икки тииҥи ыыппытын ытан ылла. Киэһэ-сарсыарда аһыыр астанан санаата көннө. Мунан иэдээҥҥэ түбэһэ сылдьарын умна быһыытыйан, булчут киэбэ киирдэ. Икки сис ойуур быстыһыытыгар тэтиҥ быыстаах талах налыы кэллэ. Өрдөөҕүтэ уот тура сылдьыбыт сирэ быһыылаах. Онон-манан хаппыт мас умнастара, талахтар үрдүлэринэн, тугу эрэ манаһардыы хороһон тураллар. Сиһинэн хаамар чэпчэки. Сэкэ анараа сискэ тахсыахтаах. Арай көрдөҕүнэ, үс сүүсчэ хаамыы тэйиччи, анараа сис халдьаайытыгар икки туртас талахтаан сии тураллар эбит. Сэкэ тута бултаһарга сананна. Аҕата үөрэппитинэн сөмүйэтин тылынан силимэтээн салгыҥҥа чороччу тутан, хайа диэкиттэн салгыннааҕын быһаара оҕуста. Сис быстыһыытыгар салгын налыы устун сир үрдүк өттүттэн намыһаҕар хамсааччы. Салгын үрэр хайысхата кини диэки. Онон ырааҕынан эргийэ барбакка, быһа талахтарынан сирэйдэнэн үөмтэ. Сэрэнэрэ сүрдээх. Эрдэттэн билэн ыстаннахтарына, туоҕа да суох хаалар. Биири хааллардаҕына, кыстыыр аһылыгын булунар. Көстүмээри хаарынан саба ыһынан, аттаан үөмэн, сүүсчэни кыайбат хаамыыга киирдэ. Олус чугаһыы сатаабакка ытарга быһаарынна. Туохха кыҥаан ытар толкуйугар түстэ. Аҕата: «Кыра саанан улахан булду үөс тардарын тэһэр курдук кыҥаан ытыллар. Ханнын сааҕар уонна ойоҕоһун уҥуоҕар буулдьа бөппөтүн курдук. Өрөһөтүн тэһэ ыттарбыт кыыл ырааппат», — биирдэ быһаарбыта. Уонна Харыйалаахтаан иһэн тайаҕы оннук ытан өлөрбүтэ өй укта. Сэкэ куобахтан улахан булду бултаабатах буолан, долгуйар, мэктиэтигэр илиитэ салҕалыырга дылы. Тоҥуу хаарга үөмэн уонна ыгыллан, көлөһүнэ икки иэдэһинэн түһэр. Ол да буоллар хараҕа уоттанан, туртастарын диэки чоҕулуччу көрөн сытар, чыпчылыйбат даҕаны. Ытар сирин оҥостор. Сыыһан кэбиһэр куттала саараҥнатар. Аҕата: «Булт күүтүө суоҕун сөп, сулбу-халбы тутун», — сипсийэн ыксатарга дылы. Кыҥаан сыппахтаата, синэ биир диирдии, аллараа уоһун ытырда уонна саатын элбэрээгин тардан кэбистэ. Саата эстэн, санаатыгар иһийэн турбут чуумпуга улахан баҕайытык «пас» гынна. Туртастара туох тыаһын өйдөөбөтөхтүү, эргиччи олоотоон, кулгаахтарынан сапсыммахтаатылар уонна, өлүү суоһаабытын билбиттии, сис халдьаайытын бата ойуолаан кыыраҥната турдулар. Сэкэ сыыспыт абатыгар ытамньыйда, кэтэҕин тарбана-тарбана кэннилэриттэн, сайыһардыы көрөн турдаҕына, биир туртас ойон түһүүтүгэр бүдүрүйэн ылла, онтон ойуутугар умса хоруйа түстэ. Уол үөрүүтүттэн эккирээмэхтээт, аччыгын, сылаатын умнан, булдугар муҥунан түһүнэн кэбистэ.
Тиийбитэ — туртаһа хайа сахха хамсаабат буолбут. Сэкэ идэһэни сүлэллэрин кэлэ-бара сылдьан көрөрө. Онон сүлэри санаата хотор. Туртаһын үрдүгэр олорон толкуйдаата. Аан маҥнай уот оттон эт буһарынан аһаан, илиитин итиэрэ-итиэрэ туттуохтаах. Сүлэ охсон, астаан, этин күөскэ батар гына кырбастаталаан лоһугураччы тоҥоруохтаах. Куруҥ сир буолан хаппыт маһы түргэнник булан уот оттон, сүлбэккэ эрэ, иһин хайытан үөс тардарын буһара ыйаата. Күөһэ буһарын кэтэһэн, тото мотуйда. Бастаан отуутун оҥостон баран булдун астыырга сананна. Отуу оҥосторго үөрэнэн, түргэтээбит. Бу сырыыга налыыттан от үргээн, лабааларын үрдүнэн халыҥата сапта. Туртаһын, хараҥардар да, кулуһунун сырдыгар астаан бүтэрдэ. Иккиһин күөстэннэ. Наҕылыччы тото аһаата. Сытар сиригэр күл кутан, үрдүнэн халыҥ сэктэ тэлгээн, туртаһын тириитин инчэҕэйдии сабынна. Уутун быыһынан: «Тириини кулуһуҥҥа сырайан хатардахха, бэрт суорҕан буолууһу», — түүл-бит курдук санаан аһарда. Утуйан хаалбытын бэйэтэ да билбэтэ. Үгэһинэн, сарсыарда тыҥ хатыыта уһугунна. Улаханнык тоҥмотох, дьэгдьийбит эрэ. Тириитэ хайдах сабан сыппытынан, торточчу тоҥон хаалбыт. Сыппахтыы түстэ. Бүгүҥҥүтүн толкуйдаата. Бу отуутугар тириитин кулуһуҥҥа сараҕытан сүгэн сылдьыыһы, тымныыга бэрт суорҕан буолсу. Ойон туран кулуһун отунна. Чэй оргутунна, түүн хайа сахха бөһүйбүт буспут этин хардаҕаска ууран, эргитэ сылдьан сылытта. Аһаан баран, оттор мас булунар мучумааныгар түстэ. Төһө да куруҥ буоллар, сиэниилээх мас дэбигис көстүбэт эбит. Төрдүлэрэ эмэҕирэн турар хаппыт мастар тэптэҕинэ охтоллор, сорохторо үөһэнэн булгу бараллар. Охтон сыталлары көрдөөн булан, хомуйан, киэһэриэр диэри, холбоон-илбээн холбоон-илбээн син элбэҕи отуутун таһыгар таста. Бэрдьигэстэри эбии быһан, өссө от үргээн отуутун халыҥата хаттыктаата. Хаарынан хайыҥнаан, киирэр аанын бэрдьигэстэринэн саба уурар гына, отуутун тупсаран, ситэрэн оҥордо. Күнүн үксүн мас буларыгар ыытар. Олорон турбат. Быыһыгар тириитин эргитэн-урбатан сараҕытар. Атахтарын чорбох тириилэрин быһан ылан, этэрбэһин уллуҥун халыҥата угунньатын аннынан укта. Тас уонна ис ыстааннарын быыһынан тобуктаах суратын саба хаттык оҥоһунна. Уон иккилээх оҕо бэйэтин дьаһанара толкуйдааҕыттан киһи сөҕөр. Саха мындыр дьоно былыр былыргыттан бэйэлэрин кэннилэриттэн утум салҕыах ыччаттарын олоххо үөрэтэр үтүө үгэстээхтэр. Кинилэр оҕолорун этэн, мөҕөн, күһэйэн, таһыйан өйдөтө сатаабаттар. Илдьэ сылдьан, тэҥҥэ үлэлэһиннэрэн, наҕылыччы барыны-барытын барыны-барытын кэпсии-быһаара сылдьаллар. Ол үгэһи тутуһан Дахха, аҕата Сэнэх Сэмэн үөрэтэринии, уолугар олох муударастарын уонна ону этинэн-хаанынан ылынан, тирээн кэлбит түбэлтэлэргэ толкуйдаан, сөптөөхтүк быһаарынан дьаһаныахтааҕы ахсаабакка тиэрдэ сатааччы. Көтөрдөр оҕолорун көтөргө үөрэтэллэринии, саха үтүө үгэстэрэ ыччатын кутун-сүрүн чэгиэн туруктаан, олох олорорго уһуйаллар. Дьылҕа-хаан ыйааҕынан бэлэмнэммит моһоллору этэҥҥэ туоруур кыаҕы тобулан толкуйдааһыны, олох оскуолатын ааһыы диэн эрдэхтэрэ. Сэкэ санаата самныбата, олоххо тардыһыыта күүстээҕэ, үтүө түмүккэ эрэлэ аҕатыттан быстыбат утумун ситимэ. Сэкэ бу отуутугар хоммута төрдүс түүнэ. Кулуһунун чоҕун сэктэтин анныгар тарҕатарын умнубат. Кэлин ордугун уонна төлөннөөх чохтору отуутун иһигэр чохчолуур буолла. Күнү быһа кулуһунун сөҕүрүппэт, чоҕо элбэх. элбэх. Турарыгар отуутун иһэ олус тымныйбат, таһырдьатааҕар лаппа сылаас. Халлаан тымныйа илик. Бэҕэһээ эмиэ күнү быһа халыҥ хаар түстэ. Отуутугар дьиэтийдэ. Мантан барыан баҕарбат курдук. Сүгүөхтээх этин туспа ууран сытыарар. Хаалларыахтаах этин сиир. Хата, төһө да кэмчилии сатаатар, тууһа бүтэн эрэр. Утуйаары сытан, манна кыстыыр кыаҕа суоҕун, сотору кэминэн тымныы түһэн барыахтааҕын, дьонноох сири буллаҕына эрэ сатанарын өйдөөтө уонна айаҥҥа турунарга кытаанахтык сананна. Сарсыарда барарга хомуна сылдьан, туртаһын тириитин көрөн турбахтаата. Кулуһун уотугар сыраллан хаппыт. Киэһэ утуйарыгар торун тоһута сатаан үлтү тэпсэр. Олус имиллибэтэр да, син туппут хоту барар буолбут. Илдьэ барар этин ботуоҥкатын толору бэлэмнээбитэ, хаалларыан баҕарбат. Тириитэ ыарахана, баттыгаһа суох. Этим сиэтэҕим аайы аҕыйаан иһиэ, хонукпар саптан утуйарбар абырыыр диэн түмүгэр иккиэннэрин сүгэргэ сананна. Уонча хаамыы тэйээт, эргиллэн махтаммыттыы отуутун көрөн турбахтаата уонна тобугунан хаары оймоон, санаатыгар арҕаа хайысханы тутуһан, дьон көрдүү айаҥҥа турунна. Хаарга иннин быһа охсон ааспыт кыыл-сүөл суола элбэх. Аралдьыйбат. Аһа баар, эбии сүгэһэри ылбат. Оннооҕор айаан тыатын кэриитигэр аарыма хатыҥҥа сэттэ куртуйах тахсан олороллоругар кыһаммата. Сахалар мас көтөрүн, ордук улары күндү булдунан ааҕаллар, кэһии оҥостоллор. Көрдөххө, хатыҥ үөһээ лабаатыттан ортокутугар диэри тарҕаһан, сарсыардааҥҥы сарыалтан ып-ырааһынан чэмэлийэ уһуктубут салгыҥҥа чэбдигирэ олорор курдуктар. Төбөлөрүн чоноччу туттан, кэрэ бэйэлэрин, чэ көрүҥ диэбиттии хамсаабаттар, тугу эрэ одуулаһаллар. Барахсаттар мааныларын. Хаһан эмэ биирдэрэ бөхтөн-сыыстан ыраастанардыы кынатынан дапсыммахтаан ыллаҕына, атыттара хайыһан, төбөлөрүн кыҥначчы туттан, турулус-ирилис көрөллөр. Киһи-сүөһү сылдьыбат түҥ тыатыгар, биир ийэ ууһа аймаммакка үөрдэһэн кыстаан сырыттахтара. Саас харалдьык таҕыстаҕына харалар эрдэҕэстэрдиин ханыылаһар оонньуур кэмнэригэр наардаһан, ийэ ууһун тэринэ түөрт аҥыы тарҕаһыахтара. Сэкэ сылайбатар да тохтоон олоро түһэн көрөөрү, ботуоҥкатын устан, үрдүгэр олорунан кэбистэ. Аҕата: «Биир маска олорор куртуйахтары аллараларыттан ытан түһэрэн, барыларын ылыахха сөп», — сүбэлиирдии кэпсээччи. Сэкэ үтүлүгүн устан, уҥа тарбахтарын бэстилиэттии тутан, аллараттан үөһэ аахтара кыҥыы-кыҥыы «пус» диэн ытыалаабыта буолла. Сөмүйэтин, бэстилиэт уоһуттан буорах буруотун үрэн кээһэллэрин үтүктэн, үрэн сур гыннарда. Дьоһуннаахтык туттан-хаптан, хаатыгар уктубута буолла. Оҕо ханна баҕарар оҕо. Дьылҕата ыйааһыҥҥа ууруллубутун умнан, оонньуу түһэн ыллаҕа ити. Бултуйбут сириттэн араҕан, аара үстэ хонно. Хараан күннэр ааһаннар, түүн тымныйан эрэр. Ойуурга мас ааҕан сиппэт элбэх эрээри, кыһалыннахха уокка оттор мас көстөрө күчүмэҕэйдэнэр эбит. Ордук сүгэтэ суох, кыһыл илиигинэн сырыттахха. Ону өйдөөн, аны эрдэ хонугар тохтуур. Ол оннугар тыҥ хатыыта айаныгар турунар. Киһи суолун таба хаама илик. Сэкэ санаатын түһэрбэт. Түүлээх кэмигэр хайаан да булчут суолун булуохтаах. Кинилэр булт соноругар сири-дойдуну киэҥник тайаан сылдьалларын билэр. Булчуту булуохтааҕар мас курдук эрэнэр. Сүгэ сылдьар хааччыныытын суоттанан көрөр. Ыһык этэ өссө да элбэх. Испиискэлээх, онтун олус харыстыыр. Саатыгар ботуруона элбэх. Ыта сатаабат. Тууһа бүппүтэ. Онто да суох этин сиир. Иннин диэки барарыгар тот эрэ буоллун. Төрдүс хонугар дьикти түүлү түһээтэ. Илэ курдук, муна сылдьар. Хаар халыҥар кыһаллыбакка сүүрэр. Хардыыта кэҥээн, дугунара күүһүрэн көтө-көтө түһэр, устунан дайдар дайан көтөн тахсар. Былыта суох ып-ыраас халлааҥҥа үөһээ-үөһэ көтөн тахсан, элиэ курдук дайыарар. Аллара көрдөҕүнэ, сис тыа киэҥ сыһыыга үтэн киирбит кэҥэччи тумус кырдалыгар күрүөлээх-хаһаалаах, хотонноох-ампаардаах ыал олоҕо турар. Дьиэ оһоҕун турбатыттан буруо көбүс-көнөтүк унаарар. Салгыҥҥа тарҕанан, бысталанан тунааран хаалбакка, дьиэттэн халлааҥҥа ыттар далаһалыы тардыллыбыт. Дьиэ иһиттэн киһи тахсан, атын миинэн сыһыыны туораан, илин ойуурга киирэн сүтэн хаалла. Дьиэҕэ түһэ сылдьаары дайбанан салайынаары хамсаан уһуктан кэлэр. Турар да кэмэ буолбут эбит. Сыппахтыы түстэ. Дьоннор чугас бааллар эбит диэн тойонноото. Субу тиийэн булуохтуу, уот оттуммакка, түргэн үлүгэрдик хомунан, түһээбит хайысхатын тутуһан, этин сии-сии, хаампытынан барда. Оҕо оҕото өтөн, уолаҕамдьыта соруйан, харса суох түһүнэн, кэнникинэн эстэн хаалла. Сынньаммакка салҕыы барар кыаҕа суох. Онно эбии дьону булар баҕа уолҕамдьытыгар, хараҥаран эрэрин өйдөөбөккө хаалбыт. Тохтоон хонорго сананна. Бу сырыыга отуу тутта, кулуһуннана сатаабата. Этин тобоҕун тоҥнуу кирэн сиэн баран, тоҥуу хаары оҥоччу хаһан, сэктэ тэлгэнэн, чопчу түһэн, тириитинэн саптан утуйан хаалла. Тымныы. Тоҥон аанньа утуйбата эрээри, син сылайбыта ааспыт. Уот оттон, күөс буһарынан иттэн барарга быһаарынна. Сулурбах да буоллар сып-сылаас миин иһэн, этин тото сиэн сэниэлэнэ түстэ. Күн ортотун диэки, сынньана олорон, иннигэр тэйиччи тоҥуу хаар кэһиллибитин көрөн, иҥнэн умса баран түһэ-түһэ сүүрдэ. Тобугунан хаары кэһэн, уонча хонукка тайҕаны кэһэн сэниэтэ эстэн эрэр оҕо, дьиҥэр, санаатыгар сүүрэр. Тиийбитэ, киһи суола. Атын туора баайан, тииккэ олорор тииҥи тула хааман көрөн баран ытан ылбыт сирэ эбит. Түүҥҥү кыраһа саппыт, бэҕэһээҥҥи суол эбит. Сэкэ үөрүүтүттэн хайдах хараҕа кылахачыйа сырдаабытын, ааҕааччыны долгутардык кэпсиир кыаллыбат. Үөрүү өрөгөйүн Сэкэ оннугар киһи бэйэтэ эбитэ буоллар билиэн сөбө. Уоскуйан олорон толкуйдаата. Хайа өттүттэн кэлбитин, онтон отуута кэлбит дуу, барбыт дуу суолунан чугаһын быһаарыахтаах. Ол кэнниттэн суоллуохтаах. Киэһэлик ыппыт буоллаҕына, барбыт суолунан дьиэтэ чугас. Сарсыарда өттүгэр тииҥи маска олорорун кэриилээн ытыллар дииллэрин өйдөөн кэллэ. Мас төрдүгэр туораах кэбийиллибит тобохторо ыһыллыбыттарын көрөн сарсыардааҥҥы аһылыгар ыппыт диэн тойонноон, кэлбит суолун батыһарга быһаарда. Булчут атын баайбыт сириттэн миинэн барыыта суолун салҕыыта. Кэлбит суола төттөрү өттүгэр уонна тахсыбыт сирэ чугас буолуохтаах. Аттаах киһи кэлбит суолун батыспытынан барда. Ат кэлбит суолунан арыый хаамарга чэпчэки. Сэкэ киэһэлик киэҥ сыһыы саҕатыгар кэллэ. Сыһыы арҕаа баһынан үтэн киирэр ойуур саҕатыгар дьиэ турар. Көрдөххө, үүтээн буолбатах, ыал олохсуйан олорор сирэ. Оһох күүскэ оттуллубут, хараҥаран эрэр халлааҥҥа кыһайан көрдөххө, турбанан уот кыһыл төлөнө өрө уһуутаан тахсан, кыракый уот харахтар буолан үрүө-тараа ыһыллан, сүтэн хаалаллар. Дьиэ иннигэр ампаардара турар быһыылаах. Оттоох күрүөлэрэ, хотонноро, даллара — барыта, дьиктиргиэн иһин, үүт-үкчү түүлүгэр үөһэттэн көрбүт сирэ. Сэкэ дьону булбут үөрүүтүгэр итэҕэйбэтэхтии, тохтоон туран кыым ыһыахтанарын көрдө. Абырыах тиэргэҥҥэ тиийэ охсоору, охтон хаарга булумахтанан ыла-ыла төһө күүһэ баарынан дьүккүстэ. Чугаһаатаҕын аайы сүрэҕин тэбэрэ күүһүрэн, куолайын бүөлүү анньыах курдук. Ыт үрэн маргыйда. Дьиэттэн киһи тахсан, ыта тугу үрэрин көрөөрү олоотоото. Сыһыы тунал хаарыгар хамсыыр хараны таба көрөн, тугун билбэккэ кыҥастаста. Ыраахтан көрдөххө, киһиэхэ майгыннаабат, кыылтан атын, туох эрэ кыра хара сүтэ-сүтэ күөрэҥниир, бэттэх диэки кэлэрдии бөкүнүҥнүүр. Ыт суостаахтык баһыгыраабытынан утары ыстанна. Сэкэ куттанан хамсаабакка турда. Ыт чугаһаан баран киһитин билэн, эккэлээн куймарыҥнаата. Саха ыалын булчут ыттара ытырыык буолбаттар. Иччилэрэ ыалдьытымсаҕын кэриэтэ, киһини эккэлии көрсөөччүлэр. Кырдьаҕастар этээччилэр: «Ыт иччитин киэбэ киэптээх, ыттара ытырыык буолуо, сэрэнээр эрэ», — ордуос соҕус аҕалаах ыалга билбэт киһи барарыгар сэрэтээччилэр. Тиэргэҥҥэ одуулаһа турар киһи, сыгынньаҕын тахсан тоҥон, төттөрү киирэн таҥнан, саатын туппутунан таҕыста. Далын ааныгар саба түһэн туран көһүттэ. Ыҥырбатах ыалдьыта чугаһаатаҕын аайы, дьиксинэ саныыр. Киһи буолбатах, майгынныыр туох эрэ супту көрбүтүнэн, охтон булумахтанан тура-тура иһэр. Дьиэлээх киһи, куттаннар да, кимин, тугун да иһин таһырдьа быһаарсарга оҥостон, саатын бэлэм тутан турда. Сэкэ тиийэн кэлбитигэр соһуйбуттуу: — Хайаа-аа… Кыра оҕо эбиккин дуу?
Туох диэн хардарыан билбэккэ: — Сэкэбин, — онтон өйдөнөн: — Сэмэнчикпин, Сэмэнчикпин ээ, — көннөрүннэ. Оҕо эстибит-быстыбыт дьүһүнүн көрөн: — Чэ, дьиэҕэ сылааска киириэххэ, ыраахтан иһэҕин быһыылаах? — чахчы киһи оҕото буоларын саарбахтаабыттыы ыйытта. Саарбахтаамына. Дьон олорор сириттэн уонча көс тэйиччи сиргэ боруҥуй буолуута, хантан кыра оҕо тиийэн кэлиэй? Халты Хабырыыс хаалларбакка итигэстээбит буолуохтаах диэн, булчуттар да тумнан ааһар сирдэрэ. Дьиэ иһигэр киирбиттэрэ, эдэрчи дьахтар ыалдьыты кэтэһэ таарыйа киэһээҥҥи астарын бэлэмнии сылдьар эбит. Сэкэни көрөөт, чахчы куттаммыт көрүҥнэннэ, саҥата суох далбааран турбахтаан баран, кэмниэ кэнэҕэс: — Хантан бачча түүн оҕо булан киллэрдиҥ? — эриттэн ыйытта уонна дьиҥнээх оҕотун билэ сатыырдыы сирэйин-хараҕын сэмээр манаһар. Халты оҕону тутан-хабан билэ таарыйа, таҥаһын сыгынньахтаата уонна көмүлүөк иннигэр талах олоппоһу ыйда: — Итиннэ олорон итин, онтон сылаастыахпыт, — диэтэ. Саҥата-иҥэтэ суох чочумча кэм ааста. Дьахтар күөһүн хоторон, этин хобордооххо өрөһөлүү уурда. Ортолуу аһаан иһэн Халты: — Хантан сылдьар оҕоҕунуй? Кэпсээ, истиэҕи, — өссө да абааһы буолбатаҕар эрэммэт курдук ыйытта. Сэкэ өрүһүспүттүү хабыалаан аччыгын уталытта, ол да аһыырын тохтоппокко олорон, киэһэ сытыахтарыгар диэри ымпыктаан-чымпыктаан барытын кэпсээтэ. Халтылаах дьэ киһи оҕото буоларын итэҕэйдилэр. — Дьоллоох киһи буолсугун. Бачча ыраах, атын оройуон сириттэн, бүгэн сытар биһиги олохпутун таба тайаммыккын. Айыы Тойон дьолбутугар илдьитин ыыппытын аҕаллаҕыҥ. Оннук эрэ буоллун, — Халты кимиэхэ анаан саҥарара биллибэт. Даайа уҥа ороҥҥо утуйар таҥас бэлэмнээтэ. — Тоойуом, чэ, утуйа хаал. Билигин баҕас дьиэҕэ киирдэҕиҥ дии, — диэн Халты кэпсэтиини түмүктээн ыһыырынньыгын уотун саба үрдэ.
Дахха күн аайы уолун көрдөөн сырата быһынна. Бу киэһэ, Сэкэ ыалы булбут киэһэтигэр, дьиэтигэр Хараанайга төннөрдүү оҥоһунна. Быйыл бултаабата. Ол диэн Балбааратыгар уолбун сүтэрдим диэн этиэхтээҕэ санаатын-оноотун баттыыр ыарахан сүгэһэр. Сүрэҕэ тулуйуо дуо? Отой соҕотох туран хаалар дуу? — ааспат-арахпат ыйытыктар ыйана сылдьаллар. Буолбуту уларытар кыаҕа суох. Бу сиргэ кыстыы хаалбат. Болдьоҕуттан тардылыннаҕына, Балбаарата күүтэн өссө иэдэйиэ. Утуйбата даҕаны. Кыратык нуктуу түһэн ылла. Түүн ортотун диэки туран, улахан атын көлүйэн, Улаанын сиэттэрэн үүтээниттэн хоҥунна. Дьиэтигэр киэһэ Балбаара утуйуон иннинэ тиийиэхтээх. Дахха сыарҕатыгар утуйар-утуйбат олорон иһэр. Даадар Хараанайдаан иһэрин билэр курдук. Тардыыта чэпчэки. Соруттарыыта суох тоҥуу хаары тэлэн дьүккүйэн иһэр. Балбаара иһэллэрин билэн олордоҕо. Бахсыр урут барбыта. Тиийэн идэтинэн ааны тарбаан кэлбитин биллэрдэҕэ. Балбаара оһоҕун хос күүскэ оттон, саҥа күөс өрдөҕө. Урут мэлдьи алаадьылаан көрсөөччү. Билигин да алаадьылаан сырдьыгыната турдаҕа буолуо. Дахха киэһэ боруҥуй буолуута дьиэтигэр тиийдэ. Дьиэҕэ киириэн ыксаабат. Күүлэҕэ киирээри уһуннук тэбэннэ, сахсынна. Эккэлиир Бахсырын илиитэ эрэ имэрийбэхтиир, санаата атыҥҥа. «Хайа, Сэкэҥ?» — диэн ыйытара чахчы. Туох диэн хардарар, быһаарар? Сымыйалыыр кыаҕа суох. Эттэҕинэ хайдах буолаахтыыр? Ити түгэнтэн олус саллар. Хайыай, таһырдьа хонуо дуо? Оргууй аанын аһан киирдэ. Саҥата суох, кэпсэтиини түгэнин уһата сатаан бытааннык сыгынньахтанна. Балбаара оһоххо алаадьылыы туран: — Сэкэ тоҕо киирбэт? — истиэхтээх ынырык сонунун сүрэҕэ сэрэйбэт, үөрэ-көтө алаадьыта буһарын быыһыгар онтун-мантын дьаһайан элэгэлдьийэ сылдьар. — Уолбут аны киирбэт, — Дахха умса көрөн туран, ыган таһааран саҥарда. — Ол хайдах аны киирбэт? — Балбаара ситэ өйдөөбөккө төттөрү ыйытта. Дахха синэ биир диэбиттии: — Мунан хаалла. Көрдүү сатаатым. Булбатым, — быһыта-орута саҥарда.
Балбаара дьэ өйдөөн, тутан турбут алаадьы эргитэр лаппаакытын, хоторор алаадьылаах тэриэккэтин ыһыктан кэбистэ. Туймааран, атахтара уйбакка накыйан охтон эрдэҕинэ, Дахха икки илиитинэн көтөҕөн ылла. Көтөхпүтүнэн тиийэн ороҥҥо олордо. Балбаарата түөһүгэр саба түһэн сыстан хаалла. Дахха кэтит түөһүгэр сыһыары тутан көтөҕөн олорон, саҥа өйдөөтө, Балбаарата эрэйдээх чоруунун, иинэҕэһин. Сүрэҕэ ньүөлүйэн, уйадыйан ылла. Дахха ыал буолуохтарыттан Балбааратын хаһан кууспутун, сыллаабытын өйдөөбөт. Көтөхпүтэ чахчы суох. Билигин сэрэнэн түөһүгэр сыһыары тутан, оҕону ааттыырдыы, төбөтүттэн имэрийэ олордо. Куолаһынан бигиирдии намыыннык саҥара олордо: — Буолбуту хайыахпытый. Айыллан кэлбит дьылҕатын ыйааҕа итиччэ буолуо. Айыы Тойону утарбаккын. Кини итинник суорума суоллаан ыыттаҕа. Туох аньыыбытыгар хара дьайы кыттыһыннардаҕай? — дириҥник үөһэ тыынна. Салҕыы: — Эн да, мин да төрүттэрбитигэр аньыылаах-харалаах киһи суоҕа. Айыылар күлүктэрин быһа хаампыт сурахтара иһиллибэтэ. Биһигини кэрэһэлээбэккэ, арчылаабакка тоҕо күөмчүлээтэ? Туох аньыыбытыгар? — тугу эрэ толкуйдаан саҥата суох олорбохтоон баран: — Дьикти ээ, доҕор. Куһаҕан түүл-бит суох. Барыта этэҥҥэ курдук. Биһиги оҕобут өлөн-охтон биэриэн сатаммат. Муна сылдьан булчуттары көрсөн барыстаҕа. Кырдьаҕастар туох барыта утумнаһар дииллэр. Эн кыраҕар муна сылдьыбытыҥ дии. Кыыс оҕо сирдээн дьону булларбыта диэн кэпсиириҥ. Сэкэни да инник киһитэ иэдээнтэн быыһаан булгу сирдиэхтээх. Сэкэбит биһигиттэн букатыннаахтык барбытын итэҕэйбэт курдукпун, — Дахха саҥарарын тохтотон, уруккуну эргитэ санаан кэллэ.
Балбаара эрин түөһүгэр сыстан олорон, сүрэҕэ тиҥиргэччи эрэллээхтик тэбэрин, наҕыл биир кэм намыын куолаһын истэн, уоскуйбукка дылы буолла. Кырдьык, биэһигэр сылдьан, аҕата-ийэтэ баалларына, сэттэ хонук устата муна сылдьыбыттаах. Бээ эрэ, хайдах этэй?
Саха сирин кылгас күннээх өҥүрүк куйааһа сатыылаан турара. Курааны баттаһа от үлэтин былдьаһыктаах кэмнэрэ этэ. Оччолорго отчуттар оттуур сирдэригэр көһөн, үрдүттэн үлэлииллэрэ. Кинилэри кытта Сөдүөт эмээхсининиин кыттыгас оттууллара. Ходуһалара бөһүөлэктэн үс көс тэйиччи сытар Хорох ходуһата диэн ааттанара. Баарыска үксүн дьонун кытта ходуһаҕа киирсэн чэйдэнэр сирдэригэр, аҕата туппут от отуутугар оонньуура. Үксүн ходуһаҕа лыахтыыра, сибэккилиирэ, хаптаҕастаан сиирэ. Дьоно кыыстара оонньоһор оҕото суох тэһийбэтин көрө-билэ сылдьаллара да, хайыахтарай. Баарыска кыҥкыйдаатаҕына, ийэтэ кинилэр олохторуттан биэс биэрэстэлээх Хатыы диэн сиргэ оттуур, кини саастыыта кыыс оҕолоох ыалга икки хас хонноро илдьэрэ. Арыт кинилэр Күннэйдэрин аҕалаллара. Кэлин сылдьар суолларын билэн, бэйэлэрэ сылдьыһар буолбуттара. Баарыска сарсын Күннэйдээххэ барарга киэһэ үлэһэн, дьиэтигэр утуйан хаалбыта. Туран суунан, остуолга ийэтэ бэлэмнээбитин аһаан, наҕылыччы айаҥҥа турбута. Аара баран иһэн суол кытыытыгар буспут сугуннары көрөн, тоноон сии туораабыта. Сугун киһини-сүөһүнү көбүөхтэтэр куйааска буһан, уга күп-күөх таас ытарҕа курдук отоннорунан симэнэ охсубут этэ. Сугуну хабыалаамахтаан иһэн, ийэтэ: «Сугун буһан эрдэҕэ, быыс булан сугуннаабыт киһи», — диэбитин өйдөөн кэлбитэ. Элбэҕи хомуйан дьонун үөрдүөн баҕаран кэлбитэ. «Күннэйдээххэ бүгүн барбаппын, сугуннаан дьиэбэр төннүөм», — диэн толкуйдаан хомуйбутунан барбыта. Бастаан ырбаахытын тэллэҕэр хомуйан аҕалан былаатыгар кутара. Онтон олохтоохтук оҥостон хомуйаары, дьиэтиттэн ыаҕайа аҕалбыта. Былаатын толорон, түмэ баайан чөҥөчөк төрдүгэр уурбута. Ыаҕайатын тоҕонохтонон, салҕыы хойуу сугуннаах сири була ойуур устун баран испитэ. Саҥаттан саҥа сугуннаах сирдэргэ көһө сылдьан ыаҕайатын толорбута. Төннөөрү гыммыта, хайа диэки суола хаалбытын билбэт эбит. Ыллыгынан туораан тахсыбытын өйдөөн, ойуур ыллыгын булан, батыһан барбыта. Сугуннаах былаатыттан төттөрү өттүгэр баран, суолуттан ырааттар ыраатан испитэ. Батыһар ыллыга бүтэн хааллаҕына, атыны көрдөөн булара. Кэнникинэн хаамарын түргэтэппитэ. Күн саҕахха барыыта ыксаан, төһө сэниэтэ баарынан сүүрэн тэппитэ. Сайыҥҥы боруҥуй түүнү быһа тохтообокко, сэниэтэ эстиэр диэри барбыта. Сарсыарда күн үөһэ ойуута мас төрдүгэр сынньана олорон, сыламнаан утуйан хаалбыта. Уһуктубута, күн үөһэ көстөрө. Хайа диэки барыан отой билбэтэ. Аччыктаабыт да ыаҕайалаах сугунуттан сиэбэтэ, дьиэтигэр толору тиэрдиэн баҕарара. Сугун уктаах ойуура бүппүт, уҥуохтаах отон уктаах бэс чагдаҕа олороро. Эмиэ ыллыгы булан, салҕыы иннин хоту барбыта. Ол курдук үс күн тугу булбутун: хаптаҕаһы, буһа илик отону, дөлүһүөнү — сии-сии атах балай баран испитэ. Күнүс кумаара сөҕүрүйэрэ, киэһэриэҕиттэн түүнү быһа арахпакка дыыгынаһаллара. Хааман иһэн, хатыҥ лабаатын тоһутан дэйбиирэ. Син көмүскэнэрэ. Хата сүгүн утуппаттара. Кэлин от үргээн саптынан арыый утуйар буолбута. Төрдүс күнүн сарсыардатыгар ким эрэ ыҥырарыттан уһуктубута. Ийэтэ уһугуннарарын санаппыта. Олоро биэрбитэ, аттыгар кини саҕа кыыс турара. Алтан бас сибэкки өҥнөөх, кыра хара төгүрүк ойуулардаах ырбаахыта тэллэҕинэн икки хара сурааһыннааҕа. Күн көрөн, салгын сиэн хараардыбыт сотолоро сыгынньахтара. Атаҕар от сүмэтиттэн килэбэчийэ көҕөрбүт тумустаах маҥан сарыы түүппүлэлээҕэ. Хара таҥаһынан кутуруктуу бобо тардыллыбыт кытарымтыйа кугастыйбыт уһун чачархай баттахтааҕа. Киһи өйүгэр хатаммат мичилийэ сылдьар харахтардаах кыһаан сирэйдээҕэ. Кыысчаан тугу саҥарарын истибэт этэ эрээри, тугу этэрин өйдүүрэ. Кыысчаан Баарысканы сыныйан үөрэтэрдии көрөн турбахтаан баран: — Эн Баарыскаҕын буолбат дуо? — диэн ыйыппыта. — Дьиэбин булбакка сылдьабын, — диэн Баарыска эппиэттиэхтээҕин саҥарыан иннинэ кыысчаан өйдүү охсон: — Сугуннаах былааккыттан олус ыраах кэлбиккин. Арыый чугас отчуттары булларыам. Чэ, бардыбыт. Мантан чугас сугуннаах сир баар, — туран эргиллэн көрбөккө хааман барбыта. Баарыска кыысчаан тугу гынарын үтүктэн, этэрин толорон, батыһан сылдьыбыта. Киэһэ хонуктарыгар кыысчаан утуйар сир булан биэрэрэ. Дьиктитэ, кыысчаан ыйбыт сиригэр кумаара суох буолара. Баарыска утуйаары оҥостон сыттаҕына, көрбөт түгэнигэр кыысчаан суох буолан хаалара. Ханна баран сүтэрин билэ сатаабата. Сарсыарда уһуктарыгар таһыгар кыысчаан олорор буолара. Ардыгар сырсыакалаһан, «биир тааптаһан» оонньууллара да, кыысчааны Баарыска тутан көрбөтөҕө, ситтэрбэккэ куота көтөн, сыыһа харбатан иһэрэ. Сэттис күннэригэр күн ортотун саҕана киэҥ сыһыы саҕатыгар кэлбиттэрэ. Кыысчаан тохтоон туран Баарыскаҕа эппитэ: — Сыһыы уҥуоргу төбөтүгэр отчуттар отууланан олороллор. Билигин күнүскү омурҕаннарыгар чэйдии олороллор. Сыһыы ортото уулаах. Ойуур саҕатынан эргийэ бар. Миигин кэпсээйэҕин. Дьиэҕэр ыҥыыр акка мэҥэстэн сарсын илдьэн биэриэхтэрэ. Мантан дьонуҥ сэттэ көстөөх сиргэ оттууллар, — саҥарарын тохтотон Баарысканы тонолуппакка, курдары көрөрдүү, одуулаан турбахтаабыта. Онтон: — Баарыскаа, этэҥҥэ сылдьыаҥ. Чэ, бар, — диэбитэ. Баран иһэн эргиллэн көрбүтэ — кыысчаан хайа сахха суох буолбут этэ. Баарыска, кыысчаан эппитин курдук, сарсыныгар отчуттар улахан уоллара ыҥыыр акка мэҥэстэн, дьоно утуйаары олордохторуна тиэрдибитэ. Баарыска дьоно түөрт күн кыыстарын сүтүктээбэккэ сылдьыбыттара. Урукку өттүгэр Күннэйдээххэ муҥутаан үс күн буолара, төрдүс күнүгэр иккиэннэрин Күннэй ийэтэ түөртүүр омурҕан кэнниттэн аҕалан биэрэрэ эбэтэр бэйэлэрэ кэлэллэрэ. Бу сырыыга кэлбэтэхтэрэ. Сарсыарда тураат, Баарыска ийэтэ кыыһын сылгылыы күнүскү омурҕаҥҥа эргиллэрдии барбыта. Хатыы отчуттарын дьиэлэригэр тиийбитэ — ким да суоҕа, ходуһаттан булаттаабыта. Өрүүнэ тиийэригэр дьонноро төрдүөн от охсо сылдьаллара. Аҕалара Дьөгүөр Өрүүнэни көрөн, көһүтэн турара: — Хайа, Өрүүнэ, халлаан туран биэрбит былдьаһыктаах кэмигэр туохха дьаарбайдыҥ? — ыйыта тоһуйбута. Өрүүнэ эргим-ургум көрбөхтөөн баран: — Оҕолор? — төттөрү ыйыппыта. — Күннэй отууга оонньуу олорор ини. Куйааһа бэрт. Хаххаҕа арыый сөрүүҥҥэ хаалларбыппыт, — Күннэй ийэтэ Маайыска кэпсэтиигэ кыттыспыта. — Баарыска кэлбэтэҕэ дуо? — ыгылыйбыт куолаһынан. — Суох, үнүрүүн кэлэн оонньоон барыаҕыттан көрө иликпит, — Маайыска туох буолбутун дьэ сэрэйдэ быһыылааҕа. — Иэдээн эбит. Ол аата муннаҕа, — Дьөгүөр бары да сэрэйэн туралларын таһыгар таһаарда. — От-мас ситэн турдаҕына, тайҕаҕа оҕону көрдөөн булар ыарахан да, көрдөөн көрдөххө сатанара буолуо, — диэн Дьөгүөр Өрүүнэни өссө уйадыппыта. Дьөгүөр туох баарынан кэпсэтэн-ипсэтэн көнөтүнэн сылдьар үгэһинэн, уйадыйаллар эрэ сах, ону өйдөөбөт, онно кыһаммат. Бэйэтин толкуйун аһаҕастык: — Чугаһынан уулаах сүүрүгүрдэр үрэх суох. Күөлгэ киирэн барбат, өйдөммүт оҕо. Эһэ, бөрө чугаһынан биллибэккэ дылы. Ханна эрэ чугас эргийэ сылдьар буолуохтаах. Суолтан хайа диэки туораан тахсыбытын билэр киһи, хайа диэки сылдьарын барыллыа этэ, — тойонноон таһаарбыта. Өрүүнэ сарк түспүт көлөһүнүн былаатынан сотто-сотто: — Мин бардым. — Биһиги көрдөһө барбаппыт дуо? — эргиллэн баран эрдэҕинэ, Маайыс ыйыта хаалбыта. — Үлэҕит сырыыптаныа. Кэлин. Бэйэбит көрдөөн көрүөхпүт. Ыксаатахпытына кэлиэхпит. Көрө сылдьаарыҥ. Билэрдии атаҕа бу диэки аҕалан кэбиһиэн сөп, — дии-дии былаатынан сапсына-сапсына сэниэлээхтик дайбанан, сүүрэр-хаамар икки ардынан барбыта. Ол күн Өрүүнэлээх үлэлээбэтэхтэрэ. Кыыстарын көрдөөбүттэрэ. Сай ортото оҕо суол-иис хаалларбата биллэр. Таайан, манан барбыта буолуо диэн хаамаллара. Ол киэһэ Өрүүнэ ыаҕайатын сүтүктээн, дьэ сэрэйбитэ, сугуннуубун диэн муммутун. Сарсыардаттан сугун уктаах сири батыһа көрдүүргэ сүбэлэспиттэрэ. Нөҥүө күнүгэр суолтан сугун уктаах сиринэн туораан, сугуннаах былаатын булан ылбыттара. Салҕыы көрдөөн, ырааппыт оҕону хантан булуохтарай. Сарсыарда туран Хатыыга барарга сүбэлэһэн олордохторуна, Баарыскалара ойон киирбитэ. Онно ийэлээх аҕата үөрүүлэрин ким ситэри кэпсиэ баарай? Балбаара ийэтэ сылаастык да кууһан олорбутун өйдүүр. Даххалаах Балбаара хаһан да маннык сылаастык куустуспатах дьон, көтөхсөн олорон, устунан утуйан хаалбыттара.
Уһук Уйбаан
6 чааһа (КЫСТЫК)
Сэкэ тиийэн кэлбит Туруйалаах диэн от үрэх киэҥ сыһыыта Сэбиэскэй былаас иннинэ Лэгэнтэй баай сүөһүтүн кыстыга. Билигин кини сиэнэ Халты Хабырыыс олохсуйан олорор. Туруйалаах бөһүөлэктэн уонча көс тэйиччи сытар, ортотугар күөллээх киэҥ сыһыылаах уонна от үрэҕи батыһа ороох-чороох оттонор ходуһалаах, үрэх тардыыта сир. Үрэҕи устунан лиҥкинэс тиит, бэс мастардаах сис сырса барар. Сис тэллэҕинэн хатыҥ, тэтиҥ булкаастаах ойуур сэлэлиир, быыһыгар харыйа үүнэр симилэхтэрдээх, киһи кутун-сүрүн тутар кэрэ көстүүлээх дойду. Үрэх тоҕоноҕун быһалыыр сис тэллэҕин салҕыыта, үрэх эҥээрэ киэҥ оттонор сыһыы. Сис сыһыыны күөйэ үтэн киирбит кырдалыгар Халты тиэргэнэ турар. Сыһыы биир баһынааҕы сис салҕыыта кырдалга Лэгэнтэй баай кыстыга. Сүүсчэ сүөһү бааллар хотоно, үүт сойутар оҥкучахтаах ампаара, үлэһиттэрэ олорор балаҕаннара, кэм хаамыытын хаара-самыыра саба баттаан, тыала-кууһа кууһа охсон, тумулу өтөхсүтэн самнаһан тураллар. Кыра тутуулара, күрүөтэ-хаһаата ыһыллыбыта, сиҥнибитэ ырааппыт. Халты таһынан сылдьар, быраҕыллыбыт быраҕыллыбытынан турдаҕа. Туруйалаах Мородулар аҕа уустарын, Лэгэнтэй төрүттэрин кыстыктарын сирэ. Билигин Мородулар утумнарын олоҕо буолан турар. Мородулар, кэлин аҕабыт сүрэхтээһининэн Мородуоһаптар, киэҥ силистээх-мутуктаах аймахтар үһү. Кинилэр сыдьааннара Лэгэнтэй баай, дьон быспыт аатынан Дьээрэ Лэгэнтэй, бу түбэҕэ олохсуйбут. Сүүсчэ ыанар ынахтаах, биир оччо субай сүөһүлээх, уонча атыыр үөрдээх нэһилиэк биир тутаах киһитэ эбит. Холкуостааһын саҕана, кулаактааһыҥҥа бастакынан ааттаммыт. Өйдөөҕүн-өйдөөх Дьээрэ Лэгэнтэй былаастарга тиийэн эппит: — Баайбын барытын тэрийэр холкуоскутугар көҥүл өттүбүнэн биэрэбин. Икки ыанар ынахпын, икки миинэр аппын, икки биэбин бэйэм бас билиибэр хаалларыҥ. Холкуос олоҕор туора туруо диэн көскө ыытымаҥ. Мэһэйдэһиэ диэтэххитинэ, мантан уон көстөөх өбүгэлэрим кыстыктарыгар олохсуйарбын көҥүллээҥ. Бултаан, түүлээхтээн холкуоска көмөлөһүөм, — диэн элэ-была тылын этэн көрдөспүт. — Баайгын кэпсэтиитэ суох ыларын ылабыт, көскө ыытары-ыыппаты, айаххын ииттэргэр төһө сүөһүнү хаалларары холкуостаахтар мунньахтара быһаарыа, — холкуостааһын боломуочунайа өс саҕа буолбут. Дьээрэ Лэгэнтэй нэһилиэгин дьонугар баттыгастаах аатырбатах киһи. Биллэн турар, сүүһүнэн сүөһүнү хамначчыттара суох көрөн-дьаһайан олорботоҕо. Мэлдьи илдьэ сылдьан үлэлэтэр дьоннооҕо. Хамначчыттара да, кэпсэтиинэн үлэһиттэрэ да Лэгэнтэй баай баттаабыта диэн үҥсэргиир суоҕа. Дьыл устата иккитэ, кыстыкка, эт тоҥуута, ыһыах саҕаланыыта хамначчыттарын күһүн ынах, сайын сылгы идэһэлиирэ. Ону таһынан ыан иһэр ыанньыктыыра үһү. Идэһэҕэ сааһырбыт сүөһүнү тутуннарара. Онтон атын аһылыктарын дьыл кэрчиктэрэ саҕаланыыта биирдэ биэрэн баран, аныгыскы сырыыга диэри тиэрдиҥ-тиэрдимэҥ, бэйэҕит көҥүлгүт диэн эрдэ хайыҥ охсунар идэлээҕэ диэн кэпсииллэрэ. Дьээрэ Лэгэнтэй Татыйыыһыныын биир эрэ уол оҕоломмуттара. Уолларын Ньукулай диэн сүрэхтэппиттэрэ. Ньукулай кыра сылдьан, тот оҕото дохсун дииллэринии, истибэттэригэр, Орой Куола диэн ааттыыллара. Сэттэ кылааһы бүтэттэрэн баран, Дьээрэ салҕыы үөрэттэрэ ыыппатаҕа. Ийэтэ соҕотох уолун бэйэтиттэн арааран, ыраах ыытыан баҕарбатах буолуохтаах. Ньукулайы аҕата илдьэ сылдьан олоххо үөрэтэн, сытыы-хотуу, дьаһаллаах буола улаатыннарбыта. Эдэр киһи эрчимэ элбэх, хаарты оонньуутугар үлүһүйэн убанан, Саккай Ньукулай диэнинэн нэһилиэккэ биллэр буолбут. Сонос Суоппуйаны ыаллыы нэһилиэктэн ойох ылан, уол оҕоломмуттара. Сэбиэккэ Хабырыыс диэн аатынан суруттарбыттара, сахалар хос ааттаһарга олохсуйбут үгэстэринэн кэлин судургутутан, Халты Хабырыыс ааттаммыта. Төрүөҕүттэн хаҥас хараҕа таһын диэки кылардыы көрөрүн сытыы тыллаахтар аакка кубулуппуттара. Бөһүөлэк дьоно Дьээрэ көрдөһүүтүн ылыммыттара. Кырдьыгы ситэри кэпсээтэххэ, икки ыанар ынаҕы борооскуларыныын, торбуйахтарыныын алта төбөнү, икки мииниллэр соноҕостору уонна икки көҥүллээх биэтин таһынан, биэс биэлээх атыыры кистээн хаалларыммыта. Атыыр үөрүн сылгыларын туттарыан иннинэ Туруйалаах диэки уолунан кыйдаппытын холкуос тойотторо хантан билиэхтэрэй. Сүөһүтүн ахсаанын киниттэн атын киһи ким да, оннооҕор уола Ньукулай, чопчу билбэттэрэ. Дьээрэ саҥа холкуос хамыыһыйатыгар сүөһүтүн ааҕан туттарбытын эрэ кэннэ икки ыалынан сааһыары, харалдьык тахсыан эрэ иннинэ, Туруйалааҕар көһөргө Сэбиэт көҥүллээбитэ. Лэгэнтэй, «дьэ эрэ» дии-дии эргитиһэн кэпсэтии ыытар тылын баһа, Дьээрэ диэн хос аатынан иҥмитэ. Баайын биэрэригэр: «Олорор дьиэ туттарбар окко киириэххэ диэри дьон наймыылаһарбын көҥүллээҥ», — диэн көрдөспүтэ. Баай бөҕөнү ылбыт дьон аккаастаабатахтара. Баҕа өттүлэринэн көмөлөһөр дьону көлөһүннэрин төлөөн, үлэлэтиэххин сөп диэн буолбута.
Урут иэстээх эбэтэр үтүөнү оҥорбут уонча киһитин кытта кэпсэтэн, хаар үрдүнэн Туруйалааҕар үрдүгэр мас кэртэрэн, таҥастатан, аҕыс да алта хаамыылаах ампаар дьиэни окко киириэххэ диэри холлоҕоһун бүтэттэрбитэ. Күһүн от үлэтин кэнниттэн ситэттэрбитэ. Сааһырбыт, саха мындыр киһитэ хаһан бу дойдуттан барыахтааҕын билэ сылдьара буолуо. Өлүөн сыл иннинэ уолун анаан-минээн ыҥыран, утары дьоһуннаан олорон: — Дьээрэ, Ньукулай, ийэҥ биһикки мантан барар күммүтүгэр кийииппит Суоппуйа, сиэммит Хабырыыс, уолбут эн харайаҕыт. Ким да көмөҕө кэлбэт, баҕар дьон син көмөлөһүө этэ. Дьоҥҥо куһаҕаны оҥорботоҕум. Былаас былдьаһан, саа тутан дьон хаанын тохсубут айыым суох эрээри, уонча көскө Былаас өстөөҕө оҕонньору орто дойдуттан атаарса ким кэлэ туруой. Чэй кэнниттэн халдьаайыга баарбына сытар сирбитин көрөн бэлиэтиэхпит. Дьонтон тэйиччи олорор киһи эрдэ бэлэмнэнэрэ ордук. Ийэҥ истибэтигэр уолгар этээр. Сэрэйэрин сэрэйиэ эрээри, сирэйгэ этэр торун тоһутуон сөп, — сорудаҕын түмүктээбитэ. — Иини эрдэ хастахха эркинэ сиҥниэ, туһата суох үлэни тоҕо оҥоробут? — Саккай аҕата хайдах сытар сирдэрин бэлэмниэхтээхтэрин өйдөөбөккө ыйыппыта. — Өбүгэлэрбит кэнники кэмҥэ харайар үгэстэринэн бэлэмниэхпит. Барытын ыйан биэриэм. Эн да сааһырдыҥ. Аҕам оннук гыммыта диэн өйдөөр, — оҕонньор үөрэтэрдии лоп-бааччы эппитэ. Оҕонньор өр халдьаайы устун өрө-таҥнары саҥата суох хаампыта. Кэмниэ кэнэҕэс: — Дьээрэ, манна олохсуйуохпут. Биһиги манан, эн ийэҥ аттыгар, онтон Суоппуйа, — илиитинэн хайа диэки хайыһан сытары кытта ыйбыта. Ньукулай саҥараары гыммытын, тугу этиэн сэрэйбиттии: — Суох. Эйигин тоҕус ый иһигэр көтөхпүт киһи аттыгар сытаар. Аньыырҕаама. Күннээх орто дойдуга букатын кэлбит суох. Хаһан эрэ барыллар. Кэс тылым кэриэтэ этэбин, — диэн сөҥүдүйэн кээспитэ. Сүлдьүгэс маһын саҕа модьу тииттэри кэрдэн, сулуйан түөрт мас үрдүктээх, киһи холкутук сытарыгар суоттаан, икки ампаар охсубуттара. Туора кэчигирэччи муоста уонна үрүт тэлгэппиттэрэ. Илинтэн арҕаа хайысхалаан икки былас дириҥнээх сиргэ оҥкучахтары хаһан ытыыстаабыттара уонна сытыахтаах «дьиэлэрин» оннуларын буллартаан баран, иини саба мас тэлгэппиттэрэ. Үрдүнэн кэрдибит мастарын мутуктарын, сыыһын чохчолуу уурбуттара. Сытыахтаах олохторун оҥороллоругар ыйтан ордук бодьуустаспыттара. Лэгэнтэй көмөлөспөтөр да тэҥҥэ сылдьыспыта. Бүтэллэригэр:
— Мэҥэлэри суоран ампаар охсон, барбыппыт үс сыла туолуута туруораар. Ол кэнниттэн эргиллээйэҕин, — диэн өлөн эрэр киһилии эппитэ. Дьээрэ Лэгэнтэй туттарбыт саҥа дьиэтигэр үс сыл олорон баран, тоҕус уонуттан тахсан сылдьан атын дойдуга аттаммыта. Сылы кыайбакка Татыйыыһа батыспыт. Дьиктитэ диэн, Лэгэнтэй күһүн сир тоҥуута, сытар олохторун тутан бүтэрбиттэрэ сыла оруобуна туолар күнүгэр барбыта. Саккай уолунуун Халтылыын аҕата эппитин толорон харайталаабыта. Саккай аҕатын курдук сытар сирдэрин уолугар эрдэ бэлэмнэппитэ. Уратыта, Суоппуйата сылынан эрдэлээбитэ. Халты аҕата суох буолбут дьылыгар олоҕор соҕотоҕун кыстаабыта. Сүөһүлээх киһи хотонугар хам бааллар. Кыһын сүөһүтүн баайан баран ханна ыраатыай. Кыһалҕа киһини күһэйэр адьынаттаах. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ соҕотоҕун оһоҕун иннигэр баччааҥҥа диэри ийэ-аҕа атаах оҕото, ойоҕо, оҕото суох сулумах сылдьыбытыттан кэмсинэр санаа үүйэ тутара үксээбитэ. Ойохтонноҕуна сатаныыһы, эбэтэр били Куолаан оҕонньордуу, кырдьар сааһыгар ыалга хонугулаан сылдьыыһы. Сыта-тура толкуйдаан, бу сайын бөһүөлэккэ ыһыахтыы таарыйа киирэн кэргэн кэпсэтэн, уталыппакка ойохтонорго быһаарынна. Торбуйахтаах ынахтарын эмньик ыытаталаатаҕына, аҕыйах хонукка сылдьан эриэхтэрэ. Киэһэ сыттар эрэ бөһүөлэккэ сулумах дьахталлары сыымайдаан тахсар буолбута. Кини барыллаата, сэрии огдооболоро элбэхтэр эбит эрээри, киһи иҥнэрэ элбэх эбит. Сорохтор элбэх оҕолоохтор, атыттар Халтыга ымманыйыахтара биллибэт, түҥ тыаҕа көһөн тахсыһар баҕалаах эмиэ аҕыйах буолуохтаах. Биирдэ, Дьылҕа Хаан имнэммитэ дуу, тэһэ астарбыт курдук, Хааһах Маарыйаны өйдөөн кэллэ. Хааһах Халты эһэтигэр үлэни кыайар буолуоҕуттан ыанньыксыттаабыт, хотонтон ордон эргэ тахсыбатах дьахтар этэ. Хааһах булумньуттан кыыстааҕа. Билигин түөрт уончатыгар чугаһаан эрдэҕэ. Эргэ тахсыбатах буолуохтаах. Үлэ диэнтэн атыны билбэт, эдэр дьахтар былдьыры саҥалааҕынан сирдэрэ сылдьара. Кыыс Даайа «р» дорҕоону «ый» диэн саҥарарын иһин Ый Даайа, эбэтэр Кыыс Даайа диэн аат быспыттара. Халты быһаарыммытын курдук ыһыахха бөһүөлэккэ киирбитэ. Сураһан билбитэ — Хааһах Маарыйа суох буолбута икки сыл буолбут. Киэһээҥҥи чэйгэ түспүт ыалын ийэлэрэ: — Кыыс Даайа соҕотохсуйан сылдьар, хата ыйыт, сөбүлэһиэ уонна Туруйалаахха биһигин ыйаабыт, борбуйун борбуйун уйуммут сиргэ тахсыһыа. Хата холхуостар туруу үлэһиттэрин ыытыахтара биллибэт, — сүбэлээбитэ. — Бачча сааспар диэри дьахтар ыйытан көрбөтөҕүм. Билигин кэлэн тылым тахсыа дуо. Маайа, ырааҕынан да буоллар эдьийим буоллаҕыҥ, суорумньу буол эрэ, — Халты үгэһи тутуһан, онон-манан эргитэн этэ сатаабакка, судургутук көрдөспүтэ. — Тылы баҕас тиэрдиллиэ, — Маайа да улгумнук сөбүлэспитэ. Ыһыаҕы аныгылыы баартыйалаахтар сэкиритээрдэр, сэбиэт уонна холкуос бэрэсэдээтэллэрэ тыл этэн бириэмийэ эҥин туттарыылаах аспыттара. Син өбүгэлэр үгэстэрин тутуһан хапсаҕайга, атах оонньууларыгар күрэхтэһиилэри тэрийбит этилэр. Куһаҕана, чөкө, биир холкуос киин бөһүөлэгин ыһыаҕар ат сүүрүүтэ суоҕа. Сэрии иннинэ хомуньуустар баартыйалара сэҥээрбэтиттэн ыһыахтааһын уота-күөһэ умуллан, кэнники ыһыахтары тэрийбэт буолбуттара. Ону кытта саха оонньуута оһуохай умнулла быһыытыйбыта. Былаастар Кыайыыны уруйдуур-айхаллыыр ыһыахтары тэрийэн ыытары сорудахтаан көҥүллээбиттэрэ. Дьон-сэргэ умнулла сыспыт үтүө үгэстэрэ эргиллэн, оһуохай түһүлгэтигэр күргүөмүнэн мустубута буолбуттара. Халты оһуохай түһүлгэтигэр Даайаны булан көрбүтэ. Төһө да аас-туор олох кэмнэрэ сабардаан аасталлар, эдэр саас үүнэр-сайдар ыйааҕынан, Даайа ситэн-хотон толуу дьахтар турара. Маайа хайа сахха кэпсэппит быһыылааҕа, сотору-сотору Халты диэки кистии-саба көрөн аһарара. Халты кэпсэтии түмүгүн билбэккэ эрэ, Даайаҕа чугаһыан саллыбыта. Маайа оһуохай түһүлгэтигэр көстүбэтэ. Ыһыахтыыр сири кэрийэ хааман, көрдөөн, хорчуоппа таһыттан булбута. — Хайа? — туора киһи тобулан өйдөөбөтүнүү ыйыппыта. Маайа тута өйдөөн, Халтыны туора сиэтэн илдьэн: — Ээх диэбэтэ эрээри утарбат, баран бэйэҥ кэпсэт, сөбүлэһиэ, — куомуннаһыылаах киһилии сибигинэйэ былаан эппитэ. — Оччоҕо сөбүлэһэрин хантан биллиҥ, — Халты токкоолоспута. — Хараҕа суох үһүбүн дуо, сирэйэ сырдыырыттан үөрэ истибитин биллэҕим дии, — Маайа өс саҕа буолбута. Хабырыыс тута кэпсэтэ тиийбэтэҕэ, ыраахтан чуҥнаһан, улам чугастаһан киэһэриитэ: — Даайа, миигин билэҕин дуо? — оруо-маһы ортотунан, толоос соҕустук ыйыппыта. — Хайдах билиэм суоҕай? — Даайа кыбыстардыы сир диэки көрөн турбута. — Маайа илдьиппин эппитэ дуо? — Туох илдьиккин? Ээ, өйдөөтүм, эйигин кэпсээбитэ, — Маайалыын кэпсэтиигэ улахан суолта биэрбэттии хардарбыта. — Туох дии санаатыҥ? — Халты харса суоҕун киллэрэн ыйыппыта. — Тугу-уу? — Даайа билбэтэхтии унаарыппыта. Халты кыбыстара арыый ааһан, синэ биир диэбиттии, айаҕа аһыллан: — Дьонум өлөн хаалан, Туруйалаахпар кыстаан соҕотохсуйдум, көх буолара дуу диэн ыйыттарбытым. — Дьукаах үлэһит наада дуу, ойох дуу? — Даайа эҕэлээх соҕустук ыйыппыта. Хабырыыс мух-мах буолан, төбөтүн имэриммэхтээбитэ уонна дугдуруй да оҕус дииллэринии: — Ээ хайдах холбоспокко бииргэ иккиэйэҕин олоруохпутуй? Бары ыаллар курдук оҕо төрөтөн быр-бааччы олоруо этибит, — Халты этиэҕин этэн сүгэһэрин түһэрбиттии чэпчээбитэ. Даайыс да оҕо диэни истэн хараҕа уоттаммыта. Сүргэтэ көтөҕүллүмүнэ, оҕо-уруу тэнитэргэ дьахтар буола айыллан, сиргэ кэлбит дьылҕатын ирдэбилэ санаатын кынаттаатаҕа. — Туспа буруо таһаарынарга, уот-күөс бииргэ тэринэргэ ис сүрэххиттэн кэпсэтэр буоллаххына… — Даайа ситэри санаатын эппэтэҕэ. Саҥата суох турбуттара. Халты сириэ дии саныыра дуу, утары көрбөккө, наар атын сири көрөрө. Даайа кыбыстара ааспыта быһыылааҕа, кэпсэтии сүрүнүн салайары бэйэтигэр ылыммыттыы: — Оччоҕо аны күһүн, сүөһү хотоҥҥо бааллыыта сэбиэккэ суруттарыахпыт, — диэбитэ холбоһор кэмнэрин болдьуурдуу. Халты ыксыы түспүтэ: — Суох, суох… Сарсын барабыт. Сөбүлэһэр буоллуҥ да тугу күүттэрэн. — Холкуос бэрэссэдээтэлэ ыытыа суоҕа, — Даайыс утаран көрбүтэ. — Кимиэхэ да эппэккэ баран хаалыахпыт. Онон бүтэр. Сүтүктүөхтэрэ суоҕа. Маайаны барбыппыт кэннэ кэпсээр диэхпит. Сэбиэскэй былааска киһини хааччахтаммат дииллэр дии, — устунан Халты куолулуох курдук буолбута. — Таҥнар таҥаскыттан ураты тугу да ылбаппыт. Барыта баар. Үҥкүү кэнниттэн Маайалаахха таарыйан ааһыахпыт уонна түүннэри мэҥэстэн бара туруохпут. Сарсын ходьоччу дьиэбитигэр тиийэр курдук, — Халты этэригэр сөбүлэһэрдии, Даайыс тугу да утарбатаҕа. Хабырыыс Даайатын тылыгар киллэрэн, атаҕа сири билбэт буола үөрэн, сиэттиһэ сылдьан оһуохайдаабыттара. Дьону-сэргэни кыраҕытык истэр-көрөр дьахталлар Халтылаах Кыыс Даайа бииргэлэһэн эрэллэрин сонун гынан бэйэ-бэйэлэригэр сипсиспиттэрэ. Киэһэ ыһыахтан тахсан иһэн Даайа дьиэтигэр таарыйан таҥаһын ылан ааспыттара. Сэрии кэннинээҕи аас-туор олоххо, соҕотох дьахтарга туох элбэх таҥастаныай? Саал былаакка эрийэ тутан Халты кыбынан барбыта. Чэйдээн, кыра ыһык оҕото ылан, бөһүөлэк сылгытын өттүгэр ыыппыт атын тутан, сулбу-халбы айаҥҥа туруммуттара. Халты Даайатын күрэтэр кэриэтэ атыгар мэҥэстэн Туруйалааҕар аҕалбыта. Туруйалаах — Даайа төрөөбүт сирэ. Ийэтэ Дьээрэ Лэгэнтэй араарбат үлэһитэ этэ. Кыстыкка Туруйалаахха сүөһү көрөрө. Сайын мантан икки көс кэриҥэ Буом сайылыгар көһөрө. Бөһүөлэккэ сылга биирдэ, ыһыахтарга тэриллэн киирэллэрэ. Даайа Туруйалаах да, Буом да хас биирдии маһын билэрэ диэххэ сөп. Онон дойдутугар кэлбит курдук сананан Хабырыыһыныын бэркэ тапсан олорбуттара үһүс кыстыга. Даайа дьиэтин, икки ыанар ынаҕын бэрийэр, Хабырыыс кыһын чугас эргин бултуур, сайынын сүөһүлэригэр оттууллар. Ол быыһыгар күөлгэ туулуур. Онон, олорон ылбакка, мэлдьи тугунан эмэ дьарыктанан, чуҥкуйар кэм да ордубата. Чэй, табах, бурдук курдук лааппыттан атыылаһыллар табаардарын Хабырыыс сылга биирдэ-иккитэ хаартылыы таарыйа бөһүөлэккэ киирэн атыылаһан тахсара. Ыраах үрэх баһыгар олорор дьоҥҥо харчылара кырыымчык соҕус буолуон сөбө да, Халты этин, арыытын атыылаан, хаартылаан аҕыйах да буоллар сүүйэн, харчынан быстаран хаалбаттара. Маайа Халты хаартылыы барарын бопсо сатаабата, төттөрүтүн, бөһүөлэккэ баран кэл диирдии, онтубут бүтэн эрэр диэн этээччи. Оччоҕо хомунан уонча хонукка эргинэ, хаартылыы баран кэлэрэ. Үчүгэйэ, хаһан да кураанах кэлбэтэ. Дьээрэ Лэгэнтэй Туруйалаахха көһөн кэлиэҕиттэн сэргэ сытар оройуон киин бөһүөлэгэр киирэн эргинэрэ, уола Саккай хаартылыыра. Онон дойдуларын нэһилиэгин киинигэр хаһан эмэ охсуллан ааһаллара.
Сарсыарда чэйдии олорон Халты, дьоһумсуйа туттан олорон, түүн устата сөрүүдүйэн, оһох оттуллан саҥа сылыйан эрэр дьиэ салгынын соһутан, улаханнык ыйытта: — Бэҕэһээ үөйэн ааккын-суолгун ыйыппатах эбиппин, хантан хааннаах, кимтэн кииннээх оҕоҕунуй? Сэкэ итии чэйин бүлүүһэттэн сыпсырыйарын быыһыгар: — Сэмиэнэп Сэмэнчикпин, Хараанайга олоробут, Харыйалаах нэһилиэгин сирэ. Аҕам Сэргэй онно сылгыһыттыыр. — Атын оройуон киһитэ кэлэн олорор эбиккин дии. Ыраах сири хаампыккын, кыра киһи диэтэххэ, — Халты төбөтүн хамсатан сөҕөр. — Кыра буолбатахпын ээ, уон үспэр сылдьабын, — Сэкэ кыра оҕо аатырыан баҕарбат. — Биһиги даҕаны дьонтон-сэргэттэн кый ыраах олоробут. Мантан чугас бөһүөлэк — уонча көс. Сылдьыһыы суох. Түүлээхситтэр да быһа охсон ааспаттар. Бөһүөлэктэн өссө тэйиччи, мантан икки көстөөх сиргэ, уруккута мин эһэм сайылыгар Уйбаныаптар олороллор. Мээнэ бодоруспат дьоммут, улахан кыһалҕаланнахпытына, ийэлэрэ эмээхсиҥҥэ ааттаан тиийэбит, — Сэкэҕэ ханна кэлбитин билиһиннэрэрдии, Халты кэпсии олордо. Салҕыы: — Халлаан тымныйда. Сатыы да, аттаах да киһи тиийбэт сирэ. Аара хонор сир суох. Биһиэхэ кыстаа, көх буолуоҥ. Эт ас баҕас дэлэй. Хотоҥҥо, дьиэҕэ-уокка Даайаҕа көмөлөһүөҥ, — Хабырыыс быһааран кэбистэ. Бэҕэһээ киэһэ быста сылайбыт оҕо, төбөтүн сыттыкка уураат, мунна бучугураан барбытын кэннэ, Хабырыыстаах Даайа сытан эрэ сибигинэһэн кэпсэппиттэрэ. Оҕону кыстата хаалларарга сүбэлэспиттэрэ. Кинилэргэ Айбыт Таҥара көмө ыыппыт курдуга. Даайа аны саас муус устар ый диэки оҕолонуохтааҕын билэннэр үөрүүлэрэ үрдээн сылдьар кэмэ этэ. Көтөҕүүлээх Даайаҕа илии-атах буолар чомой оҕо улахан көмөтүн өйдөөбүттэрэ. Дьиҥэр, уонча көстөөх сиргэ бытарҕан тымныылар түһэн турдахтарына ыҥыыр атынан айанныыр оҕо оонньуута буолбатах эрээри, кыһалҕалаах айанныан сөбө. Оҕону тылларыгар киллэрэн, хаар барбытын кэннэ, дьыл бүтүүтэ бөһүөлэккэ киллэрэн сэбиэккэ туттарарга быһаарыммыттара. — Ийэлээх аҕаҥ оҕолоро төрүттэригэр тиийбитинэн ааҕан, аһыйыахтарын аһыйан, дьылҕа эбит диэн уҕарытыннахтара буолуо. Онон ыксаама, тымныыны, биһиэхэ оҕобут курдук олорон, аһаран баран, күөх оту сүөһү сэлбиир буолуута бөһүөлэги булларыам, — Хабырыыс аа-дьуо саҥара олордо. Сэкэ тымныыга уонча көһү сатыы барар кыаҕа суоҕун өйдүүрүн ааһан, этинэн-хаанынан туруулаһан дьону булан олорор, салҕыы эрэйи көрүөн баҕарбат. Халтыны сөбүлэһэ истэн, Туруйалаахха кыстыыр буолбута. Сайаҕас оҕо туохха-барытыгар түргэнник бодоруһар. Сэкэ аҕыйах хонугунан дьиэтийбитэ. Күннээҕи үлэтэ — мас кыстыыр, муус киллэрэр, хотоҥҥо Даайалыын сылдьыһар. Сарсыарда Халты алларбыт ойбонун күнүс тэһэн сүөһүлэрин уулатар. Чугас ойуурга куобахха туһах иитэр. Сэкэ саатын, манааҕытын сүгэн ойуурга бараары тэриннэҕинэ үлэх курдук: — Мунан хаалаайаҕын, — Даайа сэрэтэ хаалааччы. Кини былыргыттан кыбыста үөрэнэн, элбэх саҥата суох, саҥарбытын да иһин «Р» дорҕоонноох тыллары туттубат буола сатыыр. — Ээс, хайдах муннахпыный, суолбун батыһан да төннөр инибин, — Сэкэ кыра оҕо курдук такайар диэн сөбүлүү истибэт. Күннээҕи олох түбүгэр үүйтэрэн, күн-дьыл биллибэккэ солбуйсан иһэр. Бытарҕан тымныылар бүтэн, кулун тутар ый көмнөҕү сахсыйар тыала-кууһа ааһан, ылааҥытыйан, туллуктар кэлэн сүөһү аһыыр далыгар от сыатыгар үмүөрүһэр кэмнэрэ. Киһи дьиэттэн ааны хаачыр гына аһан таҕыстаҕына, маҥан былааты тэлимнэтэрдии, бары тэҥҥэ көтөн тэлээрэн тахсаллар. Биир киэһэ, Сэкэ утуйаары сыппытын кэннэ, дьоно сибигинэһэн кэпсэтэ сытан тугу эрэ мөккүһэн бардылар. Даайалаах Хабырыыс инники улаханнык саҥарсыбыттарын Сэкэ истэ илигэ. Дьиктиргии санаан болҕойон истибитэ: — Байыма, хайдах чэпчиэхтээх кэммэй байаайы гынаҕын, — Даайа Хабырыыс ханна эрэ барыахтааҕын буойсар. — Оҕоҕо суу эҥин буллахха сатанар. Баччаларга оонньооччулар үлэхтээх кэмнэрэ уонна эт киллэрэн атыылаан кыратык харчылана түһүө этибит. Сэмэнчик баар, улахан көмө киһи, дьиэни, хотону сытар кэмҥэр көрүө. Тас үлэни, оту-маһы бэлэмнээн барыам. Уйбаныаптарга бара сылдьыбытым. Огдооччуйа эмээхсин көтөҕүөх буолбута. Манньатын ырбаахы таҥаһа үлэспитэ, барарбар кэтэр таҥас диэбитэ. Ыарыйдаххына Сэмэнчик баран аҕалыа. Аты сатаан көлүйэр, үөрүйэх, — Халты иһиллэрдик саҥарда. — Чэ, чэ, уоскуй. Олус тайдыллыбакка сылдьан кэлээй, — Даайа сөбүлэһэн сибигинэйдэ. Сэкэ Хабырыыс ханна барыахтааҕын Даайа бопсо сатаабытын билбэт, билэ да сатаабат, тугунан эргийэн кини дьылҕатыгар дьайыан сэрэйбэккэ утуйан хаалла. Халты отун тиэйэн, оттор мастарын Сэкэлиин эрбээннэр хайытан чохчолуу кыстаатылар. Биир сарсыарда боруктуйа да илигинэ туран, эттээх сыматын ыырдан, атын миинэн баран хаалла. Сэкэ Халты кэһии эттээх бөһүөлэккэ барарын сэрэйэ саныыр. Кинини, Даайаҕа көмөлөһүннэрээри, илдьибэтин истибит кэпсэтиилэриттэн билэр. Онон барыта буолуохтааҕын курдук ылынар. Халты барбытыттан күннээҕи түбүктэрэ туоҕа уларыйыай, барыта уруккутунан. Халты баарыгар да дьиэҕэ олорбот. Сарсыардаттан бултуу эбэтэр от-мас тиэйэ баран хаалар. Кини киэһэлик кэлэригэр үлэлэрин үмүрүтэллэр. Халты барбыта аҕыйах хоммутун кэннэ, түүн Даайа турар-олорор тыаһыттан, уһуутууруттан Сэкэ түлүк-балык утуйда. Сарсыарда турбутугар Даайа: — Чэ, тоҕойум, түйгэнник чэйдии охсон, аккын көлүйэн Огдооччуйа эмээхсини байан аҕал. Даайа кэмэ кэлбит диэй, билэй, Хабыйыыс үлэхтээхпин диэбитэ, — биир сиргэ таба олорбокко сылдьан соруйда.
Даайа оҕолоноору талыыта киирэн сылдьарын эппэтэҕин иһин, Сэкэ ыксаллаахтык сылдьыахтааҕын өйдөөтө. Хомуна охсон, тахсан истэҕинэ кэнниттэн Даайа: — Аккын хайыстаама, түйгэнник сылдьа сатаа, — дии хаалла. Аҕыйах биэрэстэттэн от тиэллибит суол бүтэн кыс устата биирдэ баран кэлбит сыаҕа суолунан тоҥууну оймотон барар. Ата соруйбутун иһин айаннаабат, күүскэ буоһалаатаҕына баһын чоноҥнотор, төбөтүн уҥа-хаҥас дьалкыҥнатан хаамарын түргэтэтэ сатыыр. Сэкэ бэрт ыксалынан дьиэҕэ көтөн түспүтэ, остуолга икки эдэр киһи уонна эмээхсин утарыта көрсөн күнүскүлэрин чэйдии олороллор эбит. — Бай, хантан кыра оҕо кэллэ, абааһы аҕалан бырахта дуу? — ортоку олорооччулара саҥа аллайар. Сэкэ ыт үрэн, сыарҕалаах ат кэлэн тиэргэҥҥэ тохтуурун түннүгүнэн көрөн-билэн олороллорун, саҥарыахха эрэ диэн саҥарарын билэр. Эппиэттэһэ барбакка, кэлбит соругун биир тыынынан эттэ. Огдооччуйа эмээхсин Сэкэни истээт, хап-сабар туран хаптаһын быыс кэннигэр киирэн, тугу эрэ үргэҥнэтэн барда. Дьон судургутутан ааттыырынан Огдоос, тас көрүҥүттэн көрдөххө, эмээхсин дииргэ киһи тыла барбат. Сырдык хааннаах, арылхай харахтаах, сонос, сааһыра барбыт дьахтар. Маҥан, онон-манан тэһитэ хара эбир ойуулардаах сиидэс былаатын үс муннуктуу хомуйа тутан, бастыҥалыы бааммыт. Киэҥ, бүлгүнүгэр байбаралаах көҕөрүмтүйэн көстөр халадаай ырбаахылаах, онтун саал былаатынан, кэтит ласпаҕар самыытын саба бөрдөммүт, хайдах эрэ дьиэ иһин сэргэхситэр көрүҥнээх. Маннык үтүө далбар хотун, киһиттэн-сүөһүттэн ыраах үрэх баһа сиргэ туох күһэйэн аҕалан олордон кээспитэй диэх курдук.
Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, Огдооччуйа баҕа өттүнэн бу сири булбатар да, ийэ амарах сүрэҕэ бөһүөлэктээҕи олоҕуттан хамсаппыта.
Биирдэ чэйдии олордохторуна эрин Хадьыйа Ньукулай инитэ Холбо сирэй Уйбаан киирэн кэлбитэ. Уйбаан убайыгар сылдьыбатын кэриэтэ. Огдооччуйа дьиктиргии, сылдьыбат бэйэтэ туохха соругуран киирдэҕэй дии санаабыта. Саха ыалын сиэринэн чэйгэ ыҥырбыта. Холбо саҥаһын өссө соһутан сиэбиттэн биир бытыылка испиири ойутан таһаарбыта: — Ньукулай, уунан сууйбут иһин барбат биир хааннаах дьон быһыытынан бу аһы аһаан кэбиһиэххэ, — бытыылкатын убайыгар ууммута. — Дьикти кэһиилээх ааммын аспыккын дии. Мантыҥ ууламмакка эрэ аһаммат ас эбит, — бытыылканы сырдык диэки тутан эргичиҥнэтэн көрө-көрө үөрбүтэ да, үгэргээбитэ да биллибэттик саҥарбыта. — Чэ, чэ, хомпуустаама, доҕор. Хата, уулаан кутаттаа, — Холбо эйэ дэмнээхтик мичик гыммыта. Огдооччуйа эбии ас тардан, испиир ууланан, иһит аҥаарын курдук иһиллибитин кэннэ Холбо: — Дьэ, убай, сүбэ курдук кэпсэтэ киирдим. — Уһаппакка-кэҥэппэккэ сүбэҕин сүбэлээ ээ, — Ньукулай убай киһи дьаҕырыйа соҕус саҥарбыта. — Сөп, сөп, убай. Дьэ маннык. Сэрии саҕаламмыта биир сыла буолан эрэр. Гитлер арҕаа судаарыстыбалары сэриилээн ылан, кыахтанан Сэбиэскэй Сойууска өмүтүннэрэн саба түспүтэ. Хаппыталыыс хомуньууһуму кытта сөбүлэһэн, эйэ дэмнээхтик олорбото чахчы, онон хаһан эрэ сэрии саҕаланыахтааҕа сэрэйиллэрэ. Иэдээн, Москваны ыла сыстылар. Ити тухары өлүү-сүтүү, киһи кыайан аахпат буолуохтаах. Ону сабан иһээри, ким саа тутар кыахтааҕы хомуйаллар. Оройуонтан нэһилиэкпит дьонун ахсаанын, билиҥҥи туругун саастарынан бөлөхтөөбүт кумааҕыбытын ирдээтилэр. Сэбиэт суруксута киһи, ону толорооччу мин. Икки хас хонугунан бүтэрэн ыытыахтаахпын. Эн уоллаттардаах киһи толкуйданыахтааххын. Сэрии аата сэрии, өлөрсүү буоларын билэн олороҕун. Германия сиэри таһынан сэбилэммит, биһигини бары өттүнэн сабырытар диэн билээччилэр кэпсииллэр. Эһиги уолаттаргыт хомууртан туора турбаттар. Саныахха ыарахана, сэрииттэн тыыннаах эргиллии хаарты тахсыытын кэриэтэ, эргиллиэхтэрэ-эргиллимиэхтэрэ биллибэт. Айбыт Таҥара эрэ билэн олордоҕо. Баалыы санаама. Миэхэ, оҕото-ойоҕо суох киһиэхэ эн оҕолоруҥ — мин оҕолорум буоллахтара. — Сэрии иэдээнин билэн олордорбут да хайыахпыный? Өйүм хоппот. — Дьэ, ону тобулуохха. Сыта-тура толкуйдаабыппын кэпсиим. Сөбүлэһэриҥ-сөбүлэспэтиҥ бэйэҥ дьыалаҥ, — Холбо атынан көтүтэн иһэр ойуулаах хааттан, уһун сотолоох бөппүрүөскэ таһааран, көҥдөй өттүнэн хаатыгар тоҥсуйан тобугуратта уонна үрэн сурулатан баран айгыстардыы наҕылыччы уматынна. Буруотун иҥсэлээхтик эҕирийэн, иһирдьэ киирэн, тугу эрэ оҥорорун, күүтэрдии олорбохтуу түһэн баран, буруотун уостарын үмүрүтэ тутан, дьиэ үрдүн диэки үрэн унаарытта. Салҕыы: — Эһиги Огдооччуйа дойдутугар көһөн хаалыҥ. — Ол дойдуттан сэриигэ хомуйбаттар үһү дуо? — Ньукулай быһа түһэн ыйыппыта. — Бээ, тохтоо, иһит. Аатыгар эрэ көстүлэр диэн кумааҕыга киллэриэм. Дьиҥэр, Дьээрэ Лэгэнтэй кулаактааһыҥҥа түбэһэн, көскө атын сиргэ барарын оннугар, көрдөһөн, кыстыгар Туруйалаахха көһөн олохсуйбута. Уола Саккай Ньукулай олорор. Онтон икки көс тэйиччи Сиэҥнээххэ сайылыктаах этэ. Билигин кураанах буолуохтаах. Дьиэтэ-уота эмэхсийдэҕэ эрээри, дыбарыас да туттар кыахтааххыт. Онно от үлэтин иннинэ көһүҥ. Эһигини холкуоһа суох дьону ким тута сатыай. Суоллаах сиргэ киирэн, онтон барар курдук хомунан бөһүөлэктэн тахсыаххыт. Аараттан хайысхаҕытын уларытыаххыт буоллаҕа. Маннааҕы учуоттан устабын. Оччоҕо ыҥырык суох дьоҥҥо ыыппаттар, уолаттаргын туппаттар. Сэрии бүттэҕинэ төттөрү көһөн кэлиэххит, — сүбэлээн бүппүтүн биллэрэн уһун, Холбо диэн бэрдэрбит сирэйин икки ытыһынан үөһэттэн аллара ньиккэринэ соттубута. Лаппа холуочуйуох дьону, уоллаттара Уйбааннаах Миисэ баттыы кэлэннэр, исиһэн улаханнык аах-маах буолбатахтара. Холбо бүтэн бараары тахсар аан чанчыгыттан тайанан туран: — Толкуйданыҥ, өйүүн киирэ сылдьыам, — тахсаары тэмтээкэйдээн ылбыта. Ол киэһэ Ньукулай тугу да саҥарбакка утуйан хаалбыта. Кэпсэтиини барытын истибит Огдооччуйа ол түүн элбэҕи эргитэ санаан утуйбатаҕа, сарсыарданан нуктаан ылбыта. Огдооччуйа Саха сирин соҕуруу оруйуонуттан төрүттээх. Ийэтэ уонна убайдаах балта онно олороллор. Аҕата орто дойдуттан барбыта. Хам-хаадьаа сылдьыһаллар, ону ааһан суол хаайыыта буолан аҕатын харайса тиийбэтэҕэ. Ньукулайын кытта Дьокуускайга сиэстэрэ үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Ньукулай техникумҥа үөрэнэрэ. Сыл аҥаарын кэриҥэ эдэр саас үлүскэн тапталынан кынаттанан үөрэнэр-үөрэммэт сылдьыбыттара. Күн сиригэр олох утумнаһан барар ыйааҕынан эрдии-ойохтуу сыһыаҥҥа тиийбиттэрэ. Устунан хат буолбута. Оҕолонор буолбуттара өссө тапталларын кутаатын күөттээн, бары ыра санааларын умуннарбыта дуу, идэлээх үлэһит буоларга тардыспатахтара дуу, үгүһү-элбэҕи толкуйдаабакка, Ньукулай, оччолорго Авдотьятын сүгүннэрэн, дойдутугар ситэри үөрэммэккэ төннөн кэлбитэ. Саҥа сиргэ кэлэн, Огдооччуйа саҥа аһыллыбыт биэлсэр пуунугар сиэстэрэлээбитэ. Анал сиэстэрэ үөрэхтээх дойдулаах кыыс кэлбитигэр сууйар-сотор үлэҕэ көспүтэ. Ньукулай лааппыга атыыһыттаабыта. Онно бөһүөлэк дьоно Хадьыйа диэн аат быспыттара. Суот туорааҕын хадьыйа тардар диэн ааттаатахтара. Бэйэтэ ордуос соҕус киһи, Хадьыйа диэн хос аатыттан өһүргэнэрэ. Ким эмэ истэригэр ааттаан кэбистэҕинэ кырбаары ыксатара. Итэҕэстэнэн, хаайыллыах киһи итэҕэһин аймахтара көмөлөһөн, төлүү охсон, үлэтиттэн эрэ ууратыллыбыта. Ол да буоллар, Холбоһуттан арахсыбатаҕа, оһох оттооччунан, сүгэр-көтөҕөр үлэһитинэн хаалбыта. Үс уол оҕоломмута. Улахана Кирилэ куоракка үөрэнэ сылдьан, сураҕа, сэриигэ тылланан барбыт. Бу саас хаардаахха, «Москва туһаайыытынан кыргыһыыга дьоруойдуу оҕунна» диэн ис хоһоонноох бохоруоҥка туппуттара. Эдэр саастарын кэрэтиппит, күүттэриилээх уонна үөрүүлээх маҥнайгы оҕолоро билигин суох. Иккис уола Уйбаан бөһүөлэгин оскуолатынан бүппүтэ. Нэһилиэккэ буоста сүүрдээччи. Кырата Миисэ сэттис кылаас кэнниттэн салҕыы үөрэнэ барбатаҕа. Убайа Холбо көмөтүнэн Сэбиэккэ илии-атах үлэтигэр сылдьар. Онон нэһилиэккэ атах-бытах үлэһиттэр быһыытынан улахан сүтүктэммэттэрэ. Кини дьахтар ытык иэһин толорон үс уол оҕону төрөттөҕө. Кыыстаныаҕын баҕарбыта да, сатамматаҕа. Огдооччуйа ааспыт олоҕор, эргитэн санаабыта, киһи ымсыырара суох. Аттыгар баар уолаттарын өлөр өлүүттэн быыһыы сир хайа баҕарар муннугар тиийэн олорорго бэлэм эбит. Огдооччуйа көһөргө быһаарынан, сүгэһэри санныттан түһэрбиттии, чэпчээн нухарыйан барбыта. Сарсынын киэһэтигэр, үлэ кэнниттэн чэйдии олорон, Огдооччуйа кэпсэтиини ыраахтан саҕалаабыта: — Хаһан бүтэр сэриитэ буолла? Барыта боруоҥҥа аатырар. Өлүү-сүтүү. Алааппыйдаах бэҕэһээ, бохоруоҥка туппуттар. Иэдээн. Бөһүөлэккэ хайа сахха биэс бохоруоҥканы туттубут. Суруктарынааҕар бохоруоҥка кэлэрэ түргэн. Уйбаан харах-уутун таһар курдуккун, — уолун, эппиппин хайдах ылынар эбит диэн, тонолуппакка көрөн олорбохтообута. — Ийээ, мин буруйум суох, ылан быраҕан кэбиһиэм дуо? Кураанаҕы күүтэн олоруохтааҕар кырдьыгы билэллэрэ ордук ини, — Уйбаан бэйэтэ хайдах толкуйдуурун эппитэ. — Эрэл диэн баар ээ. Уолбут эргиллэн этэҥҥэ кэлиэ диэн эрэнэ сылдьар ордук. Убайгыт Кирилэ аны хаһан да бу дьиэ аанын аһан киирбэт диэн билэн сылдьардааҕар, кэлиэ диэн күүтэ саныы сылдьар куһаҕан үһү дуо. Эһигини да илдьэ барыахтара, — Огдооччуйа уолаттара сэриигэ өлө барыахтарын баҕарбаттарын этиэхтэрин күүтэрэ. — Онтон куотар кыах суох. Дьылҕа ыйааҕын билбит суох, — Уйбаан бөлөһүөктүүр. — Ыҥырыктарын тутуохпут суоҕа. Ыҥырык кэлэрин биллэххинэ этээр, бултуу баран хаалыахпыт, — Миисэ судургутук быһаарбыта. Огдооччуйа күүппүтүн истэн, эппитин төннөрүө диэн өрүһүспүттүү: — Миисэ сөпкө этэр. Ыраах тыаҕа көһөрбүт буоллар бэбиэскэ туттарыа суох этилэр.
— Куотары ким көҥүллүүр? — Уйбаан киһи этэрин эрийсибэккэ истэн кээспэт идэтинэн ыйыппыта. — Ону толкуйдаабыппыт. Эһиги сөбүлэстэххитинэ, от үлэтин иннигэр көһүө этибит, — көһөргө аҕаларын Хадьыйаны сөбүлэһиннэрэ илик да, хайа сахха быһаарбыттарыныы эппитэ. Дьиҥинэн, Огдооччуйа оҕонньорун кытта инники кэпсэтэ сылдьыбыта. Хадьыйа оруннаахтык сөбүлэҥин биэрэ илигэ. — Күрээһиҥҥэ тутан хаайыллар. Уолаттаргын түрмэ дьоно оҥортуоххун баҕараҕын дуо? — Огдооччуйа көһөргө сөбүлэһэригэр ынньаҥалаппытыгар хардарбыта. — Хайдах буолбут киһигиний? Уолаттаргын өлүүгэ ыыталаан баран олороҕун дуо? Улахаммытын да сиэбиттэрэ сөп буолуо. Өстөөх кими да аһыммат, буулдьата кими да тумнубат, — сэриини олус бэркэ билэр киһилии умайыктаммыта. — Туора тахсан олорорбутун туттахтарына аҕыйах сыл ыытыахтара. Онтон тыыннаах эргиллиэхтэрэ. Сэриигэ өлөллөр, хаайыыга өлбөттөр, — баар суох итэҕэтэр куоһурун туттубута. Хадьыйа саҥарбакка, сымарынан кээспитэ. Огдооччуйа сөбүлэһиэхтээҕин сэрэйэрэ. Ньукулайа кини тылыттан тахсыбата. Маҥнай мэлдьи утары этэр идэлээҕэ. Дьиктитэ, дьоҥҥо эппитин төттөрү ылбат ньоҕой киһинэн биллэрэ. Эмээхсинэ кинини күннээҕи олоххо-дьаһахха салайарын таһыгар утарар курдуга эрээри, кэнники саҥата суох толорбут, оҥорбут буолара. Холбо болдьообут кэмигэр, кимтэн эрэ куотан киирэрдии, эмискэ сүөдэкис гыммыта. Огдооччуйа остуолга чэй бэлэмнии сылдьара: — Уйбаан, чэйдэһэн бар, — остуолга ыҥырбыта. Уйбааннаах Миисэ кэлэ иликтэрэ. — Хайа, Миисэни ханна хааллардыҥ? — уолун сураспыта. — Сэбиэт арҕаа биэрмэҕэ сорукка ыытан эрэрэ, төннө илик эбит дуо? Хайдах буолар буоллугут? — Холбо төттөрү ыйыппыта. — Бу киһи ыарыыр-чэпчиир да, көһөбүт, — оҕонньорун быһа түһэн хардара охсубута. Хадьыйа сөбүлэһэрин биллэрэн кэҕилдьийэн кэбиспитэ. — Көһөр буоллаххытына өссө биир дьыала баар. Ыраах тыаҕа олоро барар дьон аскытын-таҥаскытын хааччыннаххытына сатанар. Кыһыл илиигитинэн тугу гыныаххытый? — салҕыы, остуол үрдүгэр нөрүйэн, сөмүйэтин кыймаҥнатан дьонун чугаһата ыҥырбыта уонна сибигинэйэн: — Лааппыттан чэй, бурдук, туус, табах, испиискэ, туох баарыттан хаһааннаххытына сатанар. — Билигин туох барыта сэбиэт суругунан, дьаһайыытынан бэриллэр, ону да нуорманан, — Ньукулай бэйэтин толкуйунан, хаһаанар кыаллыбатын быһаарбыта. — Билэбин, бэйэм суруйабын. Ылыы диэн баар, — Холбо былаанын дьэ эппитэ. — Чэ, бу да киһи тылын, аны түөкүннүүбүт дуо? — Хадьыйа утары көрөн туран киһини балыйарын сүөргүлээбэт. Өйдөрүнэн сабырыттардахтара диэн уоскутунар. Оттон уорууну аньыыны оҥоруунан ааҕар саха көнө киһитэ. Саҥата суох истэн олорбут Огдооччуйа: — Уйбаан олус сөпкө этэр. Онно-манна күрүөйэхтэр бааллар, сылгыны уоран сиэбиттэр диэн кэпсэл элбэх. Күрүөйэхтэргэ балыйан, кинилэр лааппыны халаан барбыттарынан саптыахха сөп, — дьахтар өйө олоххо ордук чугаһын өйдөттө. — Ол күлүүһү алдьатабыт дуо? — Уйбаан мунаарда. — Бу да киһи, оҕо курдук буолан. Дьиэ үрдэ күлүүһэ суох. Даҥын тарыйдыҥ да, үрүт мастара тэлгэтиллэн эрэ сыталлар. Онон киирэн быанан сулбурута тыытан ылыллар баҕайыта. Ыт-кус көрбөтө эрэ наада, — Холбо толкуйун ситэри тэбээтэ. Уорбаламматтарын туһуттан көһөн баран, төннөн кэлэн, бөһүөлэккэ көстүбэккэ сылдьан, түүн ортотугар ылыахтаахтарын, ылбыттарыттан илдьэ баралларын ордугун абааһылаах диэн ким да куттанан сылдьыбат, Абааһылаах өтөх балаҕанын умуһаҕар кистииргэ сүбэлэстилэр. Огдооччуйа толкуйдаан, бэйэтэ балтын аатыттан: «Ийэҥ улаханнык сыта ыарытыйда, биһиги олохтоох дьон үлэттэн ордубаппыт. Онон ийэҕин кэлэн көр», — диэн ис хоһоонноох суругу уолунан буостанан кэлбит оҥотторбута. «Аҕабын көрсүбэтэҕим, ийэбин көрө бардахпына сатанар», — диэн бөһүөлэккэ тыл тарҕаттарбыта. Ньирэйдээх ынахтарын сиэппитинэн, таһаҕастарын үс акка ыырдан оройуон киинигэр киирэрдии барбыттара. Аттары, Холбо көмөтүнэн, оройуон кииниттэн төннөрөн аҕалыах буолан, элэ-была тылларын этэн уларсыбыттара. Саҥа олохторугар тиийэн хоноот, уолаттар аттары төттөрү аҕалан бэрэссэдээтэлгэ туттарбыттара. Халтыттан уларсан кэлбит аттарын табалаһан миинэн төннүбүттэрэ. Атырдьах ыйын саҕаланыытыгар, түүн лаппа хараҥарар буолбутун кэннэ, Хадьыйа уолаттарыныын бөһүөлэктэрин лааппытыгар «ыалдьыттаабыттара». Этэргэ дылы, тугу көрбүттэрин, туппуттарын ылбыттара. Сүгэтигэр тиийэ. Чэйи, табаҕы, испиискэни, тууһу, бурдугу, саа сэбин — лааппыга туох баарын барытын ньылбы ылбыттара. Онно эбии бултаан-алтаан, ынахтарын үүтүнэн бөһүөлэк ыалларынааҕар сэниэтик, кыһалҕаны билбэккэ олорбуттара. Огдооччуйа кэнникинэн үөрэнэн, бөһүөлэккэ тардыспат буолбута.
Быыс кэнниттэн Огдооччуйа саҥата: — Тоҕойум, мин таҥныахпар-саптыахпар диэри итиитэ киллэр. Ноо, Миисэ, долбууртан чааскыта ылан чэйдэ кутан биэр. Эдэр киһи хап-сабар туран, ыксаабыттыы туттан, килэбэчиччи сууйуллубут дьэс сылабаартан чааскыга итии уу сүүртэ. — Даайа түргэнник сылдьаар диэбитэ, — Сэкэ чэй иһэ олордоҕуна тардыллыах курдук санаан. — Чымаарыстаама, тоойуом. Мин хомунуом иннинэ син биир барбаккын, — Огдооччуйа эмээхсин хомуна сылдьан, хаҥас диэкиттэн чаҕаарда. Ийэтэ бултууругар анаан тикпит сонун кэппитинэн, бэргэһэтин эрэ устан, устунан орон кытыытыгар олорон, кутуллубут чэйин, сорудаҕы толорордуу сыпсырыйбыта буолла. Ийэлэрэ хомунан тахсаары туран: — Этэҥҥэ буоллаҕына икки хонуом. Сүөһүгүтүн көрөн, дьаһанан олорооруҥ, — үөрэммитинэн, уолаттарын дьаһайда. — Кыра оҕо буолбатахпыт, олорон эрэр инибит, — элбэх саҥалаах Миисэ чобуоххайда. Таһырдьа тахсыбыттара, саас кэлэн эрэрэ чахчы биллэн, дьиэ сарайыттан таммах таммалаан чобурҕатар, тула күлэ-үөрэ уһуктубукка, сырдаабыкка дылы. — Хайа, тоойуом, олбоҕо суох эбиккин дуу? — сыарҕа дар адарайдарын көрөн, эмээхсин саҥа аллайда. — Оттоох күрүөттэн баран отто кыбынан аҕалан тэлгээ, — Сэкэни соруйда.
От олбохтонон эмээхсин чөкөччү олорбутун кэннэ атын эргитэн, тиэргэн далыттан сиэтэн тахсан, аанын сапта. Сыарҕатыгар олороот, тиэргэнтэн ылбыт талаҕынан атын самыытыгар кымньыылаата. Онто чигди сиргэ дьэ сиэллэ. Кэлбит суола күөлгэ ойбоннуур суолларынан киирэн ааһар. Ата кырдалтан күөлгэ түһэр эниэҕэ, халысхаҥҥа сыарҕа такымыгар анньан, сиргэнэн, маах бөтөрөҥүнэн сыыры түстэ. Сэкэ ыксаата, тохтото сатаан, буоһуутун күүһэ кыайарынан тардар, ол аайы ата сиэлэн барар. Төһөнөн тардыһар, оччонон сыалыйата суох акка хомуута уһулла сыһар, сыарҕата такымыгар олорор. Ат ойбон мууһун күрдьүгүн үрдүнэн батыччыхтаан барарыгар тохтотор мучумааныгар сылдьан, Сэкэ сыарҕа иҥнэстиитигэр эһилиннэ. Хата буоһуутуттан тутуһа сылдьан охтубакка, сыарҕатыгар төттөрү олордо. Тоҥуу хаарга сыарҕа батары түһэн, соһуллубутугар ата биирдэ атаранан барда. Күөлү туораан иһэн, уоскуйан, эргиллэн көрбүтэ — эмээхсинэ суох. Сыарҕа халыһыйан охсуллуутугар эһиллэн хаалбытын сэрэйдэ. Тохтоон кэлбит суолун одууласта. Киһи иһэрэ, сытара көстүбэт. Арай ойбон таһыгар туох эрэ харааран көстөр. Атын эргитэн төттөрү эмээхсини көрдүү барда. Ойбоҥҥо чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, эмээхсин хара хаатыҥкалара тоһоҕоҕо таҥнары ыйанан турар курдуктар. Тиийбитэ — Огдооччуйата ойбоҥҥо төбөтүнэн туруору түһэн, самыытыттан иҥнэн сытар эбит. Сэкэ иэдээн тахсыбытын этинэн-хаанынан сэрэйдэ. Ыксаата, көлөһүнэ «сарт» түстэ, ойбон тула сүүрэкэлээмэхтээтэ. Бэргэһэтэ сүүһүгэр саба түһэрин өрө анньыммахтыыр. Хаатыҥкаттан тардыалаһан көрдө, кытаанах, уһуллан кэлииһи. Өрө тардан таһаарыан, кыайыа суох. Тардыалаһа туран эмээхсинэ куһаҕаннаппытын дьэ өйдөөтө. Уолаттарга тыллыы тахсыаҕын куттанна. Этин сааһа аһыллан, тымныы көлөһүн тахсан, илиитэ-атаҕа халыр босхо бардылар, иэнэ тардыалаата. Дьиэтигэр Туруйалаахха куотарга сананна. Атын эргитэн барар суолугар киллэрдэ. Атын, эн буруйгуттан диэн өһүү санаан, таһыйан, кэлээри тэлбит суолунан айаннатта. Ким эрэ сырсан, ситэн кэлиэ диэбиттии сотору-сотору кэннин хайыһар. Тиэргэнигэр атын баайаат дьиэтигэр киирэн, уҥа ороҥҥо сыгынньахтаммакка олордо, Даайатын уһуутааһына, ол ардыгар ынчыктаан ылара тохтооботох, элбээбит курдук. Сэкэ туох диэҕин билбэт, Даайа ыйытарын кэтэһэр. — Огдооччуйаҥ тоҕо киийбэт, — Даайа ыарыытын быыһыгар ыйытта. — Кини кэлбэт. — Тоҕо? Аккаастанна дуо? — Даайа ыгылыйбыта куолаһыгар билиннэ. — Куһаҕан буолла, — Сэкэ ытыахча сыҥсыйан ылла. — Ол хайдах куһаҕан буолла? — Даайа ситэ өйдөөбөккө ыйытар. Сэкэ этиэхпин эттим диэбиттии, арыый уоскуйан таҥаһын сыгынньахтанна уонна туох буолбутун кэпсээтэ. — Оо, иэдээн эбит. Уолаттайа ойбоҥҥо сассыайда киийэй дьон буолуо. Чэй иннинэ ийдэһэ кэлэй эбиттэй, — түмүк оҥордо. Даайа ынчыктыы былаан уһуутуу сытан толкуй бөҕөҕө түстэ. Хаһан оҕолонон көрбүтэ баарай. Хайдах оҕону харайалларын билбэт. Ынаҕы ахсаана биллибэт элбэҕи төрөппүтэ, ону бэркэ сатыыр. Кыһалҕа тирээн кэллэҕинэ, киһи өйө булугас, иэдээнтэн тахсары тобулар кыахтанар быһыылаах. Даайа киһи төрүүрэ ынахтан олус уратыласпат буолуохтаах диэн түмүккэ кэллэ. Күүскэ түллэр ынах чэпчэкитик оҕолонорун билэр. Онон сиэрдээтэххэ күүскэ түллүөхтээх. Оҕото тахсыбытын кэннэ ким бэрийэр. Сэмэнчик эрэ көмөлөһөр, күн-өй буолар кыахтаах. Саҥа төрүүр оҕону хайдах харайылларын, айылҕа ийэ буоларга айбытынан айылгытынан эрэ сэрэйэр. Барыта этэҥҥэ ааһара киниттэн, бэйэтиттэн тутулуктаннаҕа. Кини Сэмэнчиккэ сүбэ биэриэхтээх. Киниттэн оҕотун инники дьылҕата тутулуктанна. Даайаҕа Дьылҕа Хаан кытаанах күһэлэҥин этэҥҥэ туоруурга кэрэһиттэрэ көмөлөһөллөр дуо? Бэйэтин кута-сүрэ бэлэм дуо? Көрдөспүтүн иһин ким истиэ баарай. Кини, Кыыс Даайа, иккиэннэрин олохторун туһугар охсуһан, дьылҕаларын сууттааччы. Кини бэйэтэ эрэ… Өр ымпыгын-чымпыгын толкуйдаата. Сэмэнчиги ыҥыран: — Тоойуом, бэйэбит дьаһанай дьон буолбуппут. Оһоххун күүскэ отун. Чаанньыкка уута ойгут. Лахааны бэлэмнээ. Оҕо ытаатаҕына кэлээр. Ити хаҥас истиэнэҕэ иҥиий хатан туйай. Онтон утахта ылан бэлэмнээ. Оҕо иһиттэн тахсай оһоҕоһу төйдүнэн күүскэ бобо баайаай уонна үөһэнэн кыптыыйынан быһа кыйыйаай, оҕону миэхэ биэйээй. Ыксабай олоппоско лахааҥҥа ойгуйбут уугун сойутан, сылааһы ууйаай. Оҕону тутан биэйдэхпинэ сууйаай. Онтон ити сууга суулаан миэхэ хоонньубай биэйээй, — Даайа Сэкэ тугу гыныахтааҕын быһаарда уонна: — Өйдөөтүҥ дуо? Умнаайаҕын, сулбу туттаай, — өссө төгүл чиҥэтэрдии эбэн эттэ. Даайа уһуутуур, ынчыктыыр. Сэкэ субу оҕо кэлиэҕинии күүтэн таһырдьа тахсан киирбэккэ олорор. Ол икки ардыгар киэһэрдэ. — Тоойуом, олус күүтүмэ, аккын аһатан, наадаҕай сылдьан киий. Киэһэ аһылыккын бэлэмнэнэн аһаа уонна утуйаай, эттэхпинэ бэлэмнэнээй, уһугуннайыам, — Даайа дьаһайа сытта.
Сэкэ хабаҕырбыта сүрдээх, тута таһырдьа ойдо. Оҕо кэтэһэн, атыгар тахса да сылдьыбакка олордоҕо, дьэ сыбыдахтаата. Сургуйугар илдьэн баайда, от биэрдэ. Тымныйбыт. Күнүс от сыатыгар быһыта сиэһэн бөһүйбүт тэлгэһэ чигдитэ хаамтахха хачыргыы тоҥмут. Салгыҥҥа саас сыта биллибит. Сэкэ үлэтигэр аралдьыйан, бүгүн буолбут иэдээнин умна быһыытыйда. Халлааҥҥа бачыгырас сулустар чыпчыҥныы оонньуулларын хантайан көрөн турбахтаата. Тэһэ астарбыттыы, омунугар чохчос гынаат, дьиэтигэр ыстанна. Киирбитэ — оҕо кэлбэтэх. Даайа уһуутуура тохтообут, утуйбуттуу саҥата суох сытар. Сэкэ чэй куттан, аһаабыта буолла. — Тоойуом, оһох сөҕүйүйдэ быһыылаах, өссө оттон биэй, маста кыстаан, мууста киллэйэн кэбис, — Даайа сарсыҥҥы күн туох буолуохтааҕын, сэрэйэн да буоллар, билэр. Сэкэ сорудаҕы толороот, оронун оҥоһунна. Аанньа утуйбат, түлүк-балык сытар. Хараҕыттан Огдооччуйа хаатыҥкалаах атахтара арахпат. Төһө уһуннук утуйар-утуйбат сыппыта буолла, билбэт. Уутун быыһынан иһиттэҕинэ ийэтэ: «Сэмэнчээк, Сэмэнчээк», — диэн ыҥырар. «Тоҕо Сэкэ диэн ыҥырбатый?» — диир санаа охсуллан ааста. Арыый уута ааһан, Даайа ыҥырарын өйдөөтө. Олоро биэрдэ, дьиэ иһэ хараҥа, оһох сөҕүрүйбүт. Илиитин иминэн, таҥнан букунаста. Даайа уһуутуура ааспыт эрээри, Сэкэ сааҕа хаттаҕына ыгыстарыныы, өрө эҕирийэн, сарылыыр икки ардынан түллэ сытар. Эмискэ оҕо ытаан бэбээрдэ. Орто дойдуга саҥа киһи олох олоро кэллэҕэ ити. Айбыт Аар Тойон Таҥара үрүҥ күн анныгар ыалдьыт кэриэтэ кэлэн барарыгар тугу, төһөнү тус баайа гынан биэрэн, дьылҕатыгар баайан ыыппыта буолла? Ситэн-хотон сир сирэмиттэн тирэнэн, дэгэлдьийэ хаамар кэмнэригэр өйдөөн, ол баайын туһаныа. Үлэни-хамнаһы кыайар-хотор, быстыбат сындааһыннаах куттаах-сүрдээх саха саргытын сайыннарсар уолан дуу, далбар хотун дуу буолуо. Даайа эппитин толору тутуһан хараста. Эппитин курдук, оҕону арааран, сэрэниин-сэрэнэн тутан Даайаҕа биэрдэ. — Оо, уол эбит, — үөрбүтэ, хомойбута биллибэттик саҥа аллайда. Сылаас ууга сайҕаан баран, суулууругар дубук-дабык тутунна. Оҕо тарабачыһан эрэрдии сэниэлээхтик эһээхэйдээн ытыыр, ол аайы илиитинэн даллаҥалыыр, атаҕынан такыаланар. Сэкэ хам тутан суулуоҕун илиитэ тардар, ибили тутуох курдук. Олус сэрэнэн бэлэмнэммит таҥаһынан эрийэ тутта, сыттыкка сэргэстэһиннэрэ уурда. Даайа ньим баран хаалбытыгар, Сэкэ куттанна. Кэлэн тыынарын иһиллии турдаҕына, Даайа бэрт сэниэтэ суохтук саҥаран дьаһайда:
— Тоойуом, уоккун тиҥинэччи отун. Чэйгин ойгут. Ынахтайгын аһатаай, саахтайын күйдьэн таһаайаай. Сэкэ күн аайы толорор үлэтин соруйтарыыта суох билэр. Ыксалынан үлэтин бүтэрээт, дьиэтигэр ыстанна. Кини оҕону көрүөн баҕарар. Харайсарыгар ыгыллан өйдөөбөтөҕө. Сүлүллүбүт тииҥҥэ майгыннаппыта. Киһи буоларын итэҕэйиэ суохтук санаталаан ылбыта. Киирэн таҥаһын сыгынньахтаммытын кэннэ: — Лахааны оһох кэннигэй сийгэ ууйан кэбис. Туйдахпына бэйэм дьаһайыам, — Даайа арыый сэниэлэммит куолаһынан, салҕыы: — Тахсан тас үлэҕин дьаһай. Аккын кыйыатаа, уулат, отто биэйээй, киийэн күөскүн күөстээй. Элбэх эттэ буһайаай, — диэтэ. Сэкэ таҥна охсон, элэс гынан хаалла.
Уһук Уйбаан
7 чааһа (КУОТУУ)
Даайа сэрэйбитин курдук, күнүскү чэй иннинэ Уйбааннаах Миисэ сыарҕалаах атынан тиийэн кэллилэр. Уйбаан атын көнтөһүн дал аанын тардыы сиэрдийэтигэр эрийэ быраҕаат, дьиэҕэ супту барда. Миисэ түргэн киһи ситэн кэлэн уруттаата. Тэбэнэ-сахсына барбакка, дьиэҕэ утуу-субуу көтөн түстүлэр. Саха киһитэ таһыттан киирээт, кэпсэтэр үгэһин умнан: — Били сиэхсит ханна барда? Ийэбитин дьууктаабыт. Булан-булан ойбоҥҥо, төбөтүнэн симпит. Сыакаары ээххин этитиэхпит, — Миисэ саанар. — Оҕо оҥостон укпут үһү дуо? Алҕаска иэдээн таҕыстаҕа, — Даайа суостаах ыалдьыттарын уҕарыта сатаата. — Баччааҥҥа дылы оҕото суох олорбуккут. Хантан уорбут оҕоҕутуй? — Хайдах киһини уойуохпутуй, мунан тиийэн кэлбит оҕо. Тымныы тостуой диэйи олойдобут, — Даайа кырдьыгынан кэпсээн биэрдэ. — Сүппүт оҕо буоллаҕына, көрдөөн-көрдөөн булбакка ытаан бүттэхтэрэ, онон суох киһи буоллаҕа. Аны биһиги олордуохпут, — Миисэ убайын быһа түһэн быһаарсааччы буолла. — Оҕону муокастаамаҥ, бэйэтэ санаайҕаан иэдэйдэ, — Даайа оронуттан турбакка сытан. — Өлөрүөхсүтү төбөтүттэн имэрийиэхпит үһү. Тоһун ылыа. Ый, ону-маны быллырҕыы сытыма. Уйбаныаптар илдьибиттэрэ диэн тыллааҕымсыйаар эрэ, эн да сэрэн, — диэн Миисэ саанар. Уйбаан, дьоҥҥо биллэринэн Нөрүөн, Миисэ курдук өйүгэр туох киирбитин саҥаран тэлибирэтэн испэт, аҕыйах саҥалаах, инитигэр истээччинэн сылдьар. Сэкэ үлэтин бүтэрэн, аанын сэрэнэн аһан, сыбдыйан киирдэ. Таҥаһын сыгынньахтанаары гыммытыгар, Миисэ: — Нохоо, сыгынньахтаныма хайаама. Биһигини кытта барсаҕын, — Сэкэни саҕатыттан ылан таһырдьа догдорутта. Күнүскү чэй лаппа ааһыыта Сиэҥнээхтэригэр ойбоннонор күөллэригэр кэллилэр. Ийэлэрин хостуу иликтэр эбит. Аньыырҕаабыттара дуу, тэйиччи соҕус саҥа ойбон алларбыттар, ынахтарын уулата иликтэр эбит. Таарыччы ойбоннорун тэстилэр. — Ийэбитин хаһан хостуубутуй? — Миисэ киһи эрэ буоллар убайыттан ыйытта. — Сыттын, харайарбытыгар таһаарыахпыт. Билигин ылан ханна адаарыҥната сылдьыахпытый. Тиэргэҥҥэ кэлбиттэригэр убайа: — Киирэн чэйдэ бэлэмнии тур. Мин сүөһүлэрбин уулата ыытыам, аппын сыбыдахтыам. Чэйдии түһэн баран, оҥкучахха оттор мас бэлэмнээн, бу киэһэ уот оттон кээһиэхпит. Тоҥ буор ирэрэ уһун буолуо, — тугу гыныахтаахтарын быһаарда. — Бу сиэхсити ханна гынабыт, — Миисэ ыйытар. Кини дьон истэригэр эрэ тыллааҕымсыйар. Дьиҥэр, эрдэ «чап» диэн иһэр да, барытын убайа дьаһайыытынан сылдьар. Дьиэ таһыгар эргэ кыстык хотонуттан аҕалбыт, таайдахха Дьээрэ байан-тайан олорон, дойдуттан таһаарбыт буолуохтаах, эргэ мас буочуканы ыйа-ыйа Нөрүөн: — Буочука иһигэр симэн баран түҥнэри тутан дүлүҥүнэн баттатан кэбис. — Киэһээҥҥи диэри үлүйбэт дуо? — Миисэ ыйытан баран, онтугар бэйэтэ хардарда: — Ээ, өлөн көрдүн. Хата илиибитин марайдыахпыт суоҕа. Буочукатын ынах далын ортотугар төкүнүтэн аҕалла. Сэкэни саҕатыттан ылан иһигэр анньан баран, түҥнэри тутан кэбистэ. Мастыыртан, ычахтаһа сатаабат курдук, кыра соҕус дүлүҥү аҕалан баттата уурда уонна аһын бэрийэ дьиэтигэр ойдо. Нөрүөн сарсыарда кыратык аһаппыт ынахтаах борооскутун хотонтон таһааран ойбоҥҥо үүрдэ. Отторун хотоҥҥо күкүргэ киллэриэн сүрэҕэлдьээтэ, онон далга тарҕатта. Атын сыбыдахтаан, оттоох күрүө ааныгар сойута баайда. Дьиэҕэ ааһан иһэн буочуканы түөрэҥнэтэн, тэбэн көрдө. Сып-сап өллөнө түһэн, дьиэлэригэр олус уһаабакка сүгэ кыбынан таҕыстылар. Аһыы турар сүөһүлэрин көрөн, Нөрүөн дьаһайааччы киһи быһыытынан: — Кэлиэхпитигэр диэри тура түстүннэр, ичигэс, тоҥуохтара суоҕа. Ийэбит ыаммат ынаҕы ньырамсытан чалбах тахсыар диэри хотоҥҥо аһата турар. Мантан инньэ таһырдьа аһатар буолуллуо, — саҥа таһааран толкуйдаата. Тоҥуу хаарын оймоон уҥуоргу сискэ таҕыстылар. Аҕаларын харайбыт сирдэрин чугаһыгар, ыраах таһа сатаабат курдук, хаппыт мас булар санаалаахтар. Аҕаларын Хадьыйа Ньукулайы Сиэҥнээҕи булбуттара иккис күһүнүгэр соһумардык орто дойдуттан күрэппиттэрэ. Ол маннык этэ. Тайах хаайсыытын саҕана, биир 24-тээх доруоп сааларын тайахха бараары Хадьыйа тиит мас мутугунан буулдьа оҥорон ботуруон иитэлээбитэ. — Аҕаа, ытан боруобалаан көрүөҕүҥ, төһө көнөтүк барарын, алдьатыылааҕын, кыылы хотутуон билиэ этибит, — Миисэ өй укпута. — Сыал ыта оонньуурга саа сэбэ кэмчи. Биэс эрэ ботуруону буулдьалаатым, мээнэ мэниктээмэҥ, — Хадьыйа уолаттарын буойбута. — Төһө халыйарын билбэккэ кыылы таба ытар саарбах, — Нөрүөн кэпсэтиигэ кыттыспыта.
— Кырдьык даҕаны, төһө алдьатыылааҕын билэр сөп даҕаны. Истиэнэҕэ ытан көр, — Хадьыйа саалаах ботуруонун Нөрүөҥҥэ биэрбитэ. Нөрүөн ыраата барбакка, утары аан истиэнэтигэр ытаары кыҥастаһа турдаҕына, Миисэ ойон кэлэн: — Тугу кыҥыы сатыы тураҕын? Аҕал, мин ытыым, — диэбитинэн сааны харбаан ылар кэмигэр Нөрүөн элбэрээгин тардан кэбиспит. Саа уоһа эстэр кэмигэр дьиэттэн тахсан көрөн турар аҕаларын диэки хамсаан биэрбит. Уончаҕа тиийбэт хаамыылаах сиртэн ытыллыбыт буулдьа, мутук да буоллар, чараас ырбаахыны курдаран түөһүн тылыгар өлөрө таппыт. Аньыыта таайбыта дуу, Хадьыйа өссө да тэтиэнэх сылдьан, үөйүллүбэтэх өттүттэн, суорума суолламмыта. Сэкэ тыыллаҥныыр кыаҕа суох. Төһө да кыра буоллар, кыһыҥҥы таҥаһынан буочука иһэ кыараҕас. Хараҥа. Буочука сахсайбытын быыһынан, сырдык күндээрэр сиринэн көрө сатыыр, туох да аанньа көстүбэт. Таһырдьа туох буоларын билэрэ кулгааҕынан истэрэ эрэ. Торбуйахтаах ынах аһаан курдурҕаталлара, ылааҥыга утуйан турар ат хаһан эмэ сынньатар атаҕын уларытан, чигдини хаачырҕатан ылара иһиллэр. Онтон атын тыас суох. Сэкэ чуҥкук чуумпуга куустаран ийэлээх аҕатын, Хараанайын, Бахсырын санаан кэллэ. Устунан оскуолата, бииргэ оонньуур атастара хараҕар көстөн кэллилэр. Ордук Кэтии тэрбэччи көрөн, мичилийэн бу аттыгар кэлэн турар курдук. Тоҕо Кэтии өйүттэн арахпатын Сэкэ бэйэтэ да билбэт. Кэтиилиин Сэкэ паартаҕа иллээхтик олороллоро. Хаһан эмит тугу эмэ былдьаһан хачыгырастахтарына, Кэтии мэлдьи кыайыылаах тахсара. Сэкэ Кэтии сорунуулаахтык чоҕулуйбут хара харахтарын таба көрдөҕүнэ, былдьаһар уота-күөһэ умуллан хаалааччы. Кэтии ыалдьан үөрэнэ кэлбэтэҕинэ, туоҕа эрэ тиийбэт, соҕотухсуйбут курдук санаа үүйэ тутара. Сэкэ буочукаҕа хааллан, кэллэхтэринэ дьууктаныахтаах киһи, дьэ, өйдөөтө Кэтии киниэхэ хайаларыттан да чугас доҕор буоларын. Саха кутунан-сүрүнэн, туора харахтан кистээн, имэрийтэрэр ыраас, сырдык иэйиитэ — таптал сөҕүрүйбэт кутаата саҕыллан эрэрин Сэкэ, симик тыа оҕото, билбэт. Көстүбэт олох дьикти утаҕын ситиминэн, курдаттыы тартаран эрдэҕэ. Бииргэ үөрэнэр, паартаҕа сэргэ олорор кыыһын Кэтии мөссүөнэ, атыннык арылыйа сырдаан кэлбититтэн Сэкэ чэпчээбит санаата сүргэтин көтөхтө. Саҥа, өссө да ситэ өйдөммөт эрээри, эти-хааны сылаанньытар дьикти иэйиигэ бигэтэн, утуйбутун билбэккэ хаалла. Буочукатын таһыгар туох эрэ сырдырҕыырыттан эмискэ уһуктан кэллэ. Хараҕын туора-маары соттон түлүк түлүк уутун аһаран истибитэ, ынах кэлэн сытырҕалыы турар эбит. Айылҕа оҕолоро тулаларын билэ-көрө, үөрэтэ сылдьар идэлэринэн ынах сылдьар ыырыгар тугу саҥаны аҕалан туруорбуттарын билээри сытырҕалаатаҕа. Орто дойдуга айыллан, ууһуур аналлаахтар ийэҕэ уонна аҕаҕа арахсаллар. Ийэлэр барахсаттар оҕолорун бэйэлэринээҕэр ордук харыстыыллар. Хонууга уйаланан сымыыттаабыт чыычаах, киһи чугаһаатаҕына, дабыдала тостубуттуу дайа-дайа түһэн, бэйэтин мэҥиэлэнэн оҕолордоох уйатыттан тэйитэр. Эһэ оҕотун ыллахха, ирдэһэн өлөр өлүүгэ бэйэтинэн тиийээччи. Ынах барахсан киһи сытарын билбитэ чахчы, дьылҕата сотору кэминэн хайдах быһаарыллыахтааҕын сэрэйбитэ дуу, суоҕа дуу? Ону бэйэтиттэн ким ыйытыай? Сытырҕалаан бүтэн, эргийэ ааһан иһэн, уһун кыһыҥҥа хараҥа, сииктээх хотоҥҥо бааллан турартан хоһоҕоломмут тириитин тэнитээри, дүлүҥ төбөтүгэр моонньун аалынна. Буочука түөрэҥэлээн ылла. Дүлүҥ сыҕарыҥнаата. Сэкэҕэ төбөтүгэр эмискэ, дүлүҥ хамсыырыгар сөп түбэһиннэрэн, буочуканы түөрэ анньар өй көтөн түстэ. Атаҕар өҥдөйөн буочука иэҕэҥнииригэр сөп түбэһиннэрэн, дүлүҥ сыҕарыйбыт өттүгэр ыйааһынынан түстэ. Буочука түөрэ барда. Сэкэ таралыс гына түстэ. Ийэтин таһыгар турбут борооску соһуйан өрө тэбэ-тэбэ, бырдааттыы турда. Ынах туора халбарыс гынаат, сөхпүттүү баһын булкуйда. Сэкэ Дьылҕа Хаан өссө төгүл мичик гыммытын өйдүүр бокуойа суох, хайдах мантан тэскилиирин толкуйдуур. Сатыы ыраах уонна атынан ситэллэр. Ат, ат барахсан. Сэкэ кыратыттан бодоруспут көлөтө. Аттарын илдьэ бардахха, ыйытыга суох ылыы. Саха оҕотун өйдөбүлүнэн, ол аньыы. Биир өттүнэн толкуйдаатаҕына, иэдээнтэн куотар киһи хайдах сатанарынан куотуохтаах. Аттарын миинэн барыахтаах. Сатыы аттаах киһини сырсан сиппэттэр. Көрдөрөн туран куотар. Бааллан турар акка тиийдэ. Кини дьолугар, ыҥыырдарын күрүө үөһээ сиэрдийэтигэр мииннэрэ бырахпыттар. Тэллийэтэ суох. Дьиэҕэ киллэрбит буолуохтаахтар. Аҕата айаннаан кэлэн, тэллийэни куурда дьиэҕэ киллэрээччи. Оттон атын үүнүн дьиэ истиэнэтигэр ыйаан турааччы. «Үүнү сылыппакка эрэ кэтэрдибэт буол, тоҥ тимир ат тылыгар сыстан бааһырдар», — диэн аҕата үөрэппиттээх. Сэкэ дьиэҕэ сүүрдэ. Ааны дүлүҥүнэн баттаппыттарын сыҕарытан киирдэ. Кырдьык, тэллийэ, үүн бааллар эбит. Ылла да таһырдьа ойдо. Аты ыҥыырдаата. Иҥэһэҕэ атаҕа тиийбэт. Салҕабыр көрдөөн эргичиҥнии туран буочукатын иҥнэстэ сытарын көрдө. «Маҥнай утаа барбыккын билбэтиннэр, боруҥуйга аттарын да өйдөөн көрүөхтэрэ суоҕа», — диэн ким эрэ сибигинэйэргэ дылы. Ааннарын баттыгын, буочуканы дүлүҥүн баттаппыттарын курдук оннуларын буллартаата. Күрүөттэн салҕанан аты миинэн, Туруйалааҕын диэки салайа тутта. Сэкэ Огдооччуйа түһэн сытар ойбонун ырааҕынан тумнан, хаары оймотон суолугар киирдэ. Түөрт сыарҕа сырыытын кэнниттэн суол суол көрүҥнэммит. Күөлү туораан, дьиэттэн көстүбэт сиргэ, сискэ киирэн арыый көхсө кэҥээтэ да, дьик-дьах туттара ааспат. Туруйалааҕар киэһэ лаппа хараҥарыыта тиийдэ. Оһох уота сөҕүрүйэ илик. Киэһээҥҥи хараҥаҕа үөлэстэн сырсыалаһан эрэрдии өрө тарбачыһан тахсар кыымнар киэһээҥҥи хойуу салгынтан ах бэрдэрэн, көҥүл көтөллөрүн күөйтэрэн, буруо буолан хомуллан үөһэ унаара субуһаллар. Ону көрөн Сэкэ үөрүүтүттэн, бэйэтэ билбэтинэн, ымах гынна. Тэлгэһэҕэ, Дьээрэ көһөн кэлээт, ыйан-кэрдэн сахалыы муударастаан оҥорторон туруортарбыт сэргэтигэр атын сөллөн баран хаалыа диэбиттии, кичэйэн баайда. Сэрэнэн, кунан тириитэ бүрүөһүннээх ааны аһан дьиэҕэ киирбитэ, Даайа оронугар оҕотун эмнэрэ олорор. Кэлэрин күүппэтэх Сэкэтин көрөөт, соһуйда быһыылаах, оҕотун көтөхпүтүнэн туран кэллэ: — Хайа, тоойуом, ыыттылай дуо? — итэҕэйбэтэхтии ыйытта. — Аттарын күрэтэн куоттум, — аты ыйытыга суох ылбытыттан буруйдаммыт курдук бастакынан билиннэ. — Хайа, тоҕо сыгынньахтаммаккын? — бэргэһэтин эрэ устан тутан, таҥастыын олорорун көрөн Даайа ыйытта. — Барыам дии, кэлэн дьууктуу хос илдьэ барыахтара, — Сэкэ сыҥсыйан ылла, салҕыы куотар былааннааҕын судургутук быһааран эттэ. — Кэбис, тоойуом, аһаан, утуйан сынньанан байан сайсыайда эйдэ туйан байаай. Атыҥ быстыа. Үчүгэйдик аһаттаххына сатанай. Илистибитэ буолуо. Кинилэр да буолбуттарын иһин, бачча түүн икки көскө сатыы кэлбэттэй. Чахчы ситэн сиий санааланнахтайына сыйдаатаҕына кэлиэхтэйэ, — Даайа уоскутта. Сэкэ дьэ сыгынньахтанна. Даайа оҕотун илдьэн сытыаран баран, оһоххо кытыыга тардыллан, сылаас турар миинтэн ылтаһын тэриэлкэҕэ кутта. — Баҕайылай аһаппатахтайа чахчы. Аччык буолуоҥ. Аһаа, тоойуом, — утары сыҥаах баттанан олорунан кэбистэ. — Чэ, саас-сааһынан кэпсээ. Тугу гыннылай, хайдах куоттуҥ? — оҕо тото аһаабытын көрөн олорон, Даайа токкоолосто. Сэкэ чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа туох буолбутун, тугу да көтүппэккэ ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээтэ. — Куһаҕан дьон. Аҕалайа, дьону суокка тайдайыгай албынныыйын иһин Хадьыйа диэн хос ааттаабыттайа. Уолаттайын сэриигэ барыахтаахтайыттан куоттайан кэлэн олойбуттайа. Чэ, суох дьоҥҥо аньыыны саҥайа олойдохпунуй, — бэйэтин сэмэлэннэ. — Билигин тугу илдьэйгин бэлэмнэнэн кээс. Эттэ элбэхтик буһайын, аайа сиэҥ. Айаныҥ ыйаах. Онтон утуйаай, аккын аһатайгай уһугуннайыам. Хайыйалаахха киийэй суолу хаай үйдүнэн сылдьыллыбатаҕы булан байбаккын. Хабыйыыс суолун батыһан байаай. Күөл айҕаа өттүнэн тахсыллай. Атын ойойуоҥҥа сылдьааччы. Мантан маҥнайгы бөһүөлэк уон биэс хас көс диий, ойтотугай хонон сылдьааччылай. Эһэтэ Дьээйэ сылдьыбыт суола. Аайа сий ойтотугай үүтээннээхтэй үһү. Сайын Хабыйыыс байан оттоон кэлээччи. Кыһын иккитэ хаста байан кэлэйигэй, атын аһылыгын, хаччыны, аһы-таҥаһы Хабыйыыс хааттылаан, эт, айыы атыылаан булан кэлээччи. Аҕата баайына иккиэн сылдьаллайа үһү. Сассыайда тыҥ хатыыта хоҥуннаххына үүтээҥҥэ лаппа хайаҥаҕа тиийиэҕиҥ. Хабыйыыс киэнэ маһа бэлэм буолуо. Хата, испиискэ уктайгын умнума. Испиискэ кэмчи, хааллайбыта биллибэт. Аҕалай ини, — Даайа аа-дьуо кэпсии олордо. — Илдьэ сылдьыбыт испиискэм өссө да баар, бөһүөлэги буллахпына аттарын ханна гынарым буолла? — кыайан тобулан толкуйдаабатын ыйытта. Даайа тугу эрэ толкуйдуу олорбохтоото: — Таптыы көйбүт дьиэҕэй киийээй, кими да билбэт буолан байан хайыаххыный? Олус үчүгэй дьиэни талаайаҕын. Баай дьон байдам буолааччылай, — олоҕор билбитин санаан сонньуйан кэбистэ. — Чэ, тоойуом, маста кыстаан, хоспохтон эттэ киллэйэн күөстээ. Түйгэн соҕустук тутун. Аанньа утуйбатаххына байан иһэн аккыттан сууллуоҥ, — Даайа Сэкэни сэрэтэрдии эттэ. Халты бараары Сэкэлиин эрбээн, хайытан кыстаабыт хардаҕастарыттан көтөҕөн дьиэҕэ таста. Даайаны талыытыттан ынчыктаабытын истэн аһынар. Кини бардаҕына барытын Даайа бэйэтэ үлэлиэхтээх. Кини үлэтин аҕыйата сатыыр. Оттоох күрүөҕэ киирэн, оттон тордуоҕунан тоҕута тардан түһэрэн от угар түннүк анныгар өрөһөлөөтө. Атын сыбыдахтаата. Аҕатын сылгытыттан кэлэн атын бэрийэрин санаан ылла. Тэллийэтин, үүнүн дьиэҕэ киллэрэн Халты ыйыыр сиригэр ыйаталаата. — Аппын аһатыыһыкпын, сойбут курдук, — Сэкэ Даайаттан көҥүллэтэрдии саҥарда. — Ону хайдах биллиҥ? — Даайа дьиҥинэн аты кытта бодоруспатах буолан, хайдах бэрийэри билбэт.
— Аҕам: «Сиэлин аннынан моонньо куурдаҕына — ат сойор», — диэччи уонна хаамыынан кэлэн көлөһүннүрбэтэҕэ буоллаҕа, — кинини уһугуннараары Даайаны түбүгүрбэтин диэн, атын аһатан утуйар санаалаах. — Тоойуом, бэйэҥ бил. Көлүммэтэх көлөм, — Даайа акка сыстаҕаһа суоҕун билиннэ. Сэкэ атын аһатарга көҥүл ылбыттыы сананан, таҥна охсон таҕыста. Атын сургуйга баайда, от көтөҕөн мөрөлүтэн аҕалан күкүргэ толору симнэ. Тоттоҕуна ордоруо диэн толкуйдуур. Күнүс төһө да ылаарбытын иһин түүн тымныйар кэмэ. Үүнэр кэлтэгэй ый борук-сорук сырдатар. Былыта суох ыраас халлааҥҥа, Хараанайга хонууга, алтан бас сибэкки кэмэ суох үүнэринии, бачыгыраччы ыһыллыбыт сулустар дьиримнэһэ оонньууллар. Сэкэ хайдах эрэ Туруйалаахтан барыан баҕарбат, үлэхтээх кэмнэригэр диэри сылдьар санаа охсуллан ааста. Нөрүөннээҕэ субу кэлэн кум-хам тутан Сиэҥнээхтэригэр илдьэн эрэллэрэ хараҕар көстөн кэллэ. Куйахата күүрдэ, иэнэ кэдэҥнээтэ, дьиэҕэ куотта. — Хайа, туохтан куоттуҥ? — Даайа Сэкэ бэрт ыксалынан киирбитин көрөн. — Ээ, Нөрүөннээх тута сатыыр курдуктар, — кырдьыгын кистээбэтэ. — Тоойуом, ол куттаммыт санааҕай, аны эйигин сиппэттэй, утуйан хаал, — Даайа оҕо куттаммытын уҕарыта сатыыр. Сэкэ сарсыарда өссө сырдыы илигинэ, ойоҕоско астарбыттыы, эмискэ уһуктан кэллэ. Ыык-аах буолара суох, чэмэлис курдук. Даайаны уһугуннарыам диэн сэрэнэн, тыаһа суох илиитин иминэн таҥна сатыы олордо. — Тоойуом, уһуктаҕаспын, ыһыыйынньыгы уматын, — иһийбит хараҥаҕа Даайа саҥата дорҕооннонон иһилиннэ.
Сэкэ таҥна охсон, киэһэ бэлэмнии уурбут хардаҕастарынан оһоҕун отунна, чаанньыкка уу кутан уурда уонна таһырдьа ыстанна. Атын кырыатаата, иһэхтээтэ. Сиэтэн киирэн ойбонун алларан уулатта. Элбэх дии санаабыт отун бараабыт. От таһааран сургуйун күкүрүгэр укта. Тэллийэтин туттан тахсыбыт буолан, дьиэҕэ киирбэккэ атын ыҥыырдаата. Киирбитэ, Даайа остуолга чэй бэлэмнээбит. Сэлиэйдээх миини сылытан ылтаһын миискэҕэ куппут, эт кырбаан тэриэлкэҕэ өрөһөлүү уурбут. Ыраах, үрэх баһа сиргэ бурдуктара кэмчи. Туруйалаахха эрэ буолуо дуо, Саха сирин тыатыгар аҕалыы бурдук дэлэйэ илигэ. Дьээрэ Лэгэнтэй көһөн кэлиэҕиттэн, мындыр толкуйунан, буола сирэ таҥастаан, ньэчимиэн уонна хортуоска үүннэринэн, эттэригэр эбинэллэрэ. Эт баҕас элбэх. Күһүн тайах саҕана биири-иккини бултууллара, сүөһүнү, сииллэриттэн, эргинэллэриттэн көрөн идэһэлэнэллэрэ, идэһэлэнэллэрэ, ону таһынан мас көтөрдөөн, куобахтаан, күөлгэ балыктаан аһылыктарынан тутайбаттара. Дьээрэ ынах да, сылгы да сүөһүнү тиҥэһэтигэр идэһэлэнээччи. Сүөһү этэ-хаана ситэр кэмэ диэн быһаарара. Кини олохтообут олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин уола Саккай Ньукулай халбаҥнаабакка тутуһаллара, сиэнэ Халты Хабырыыс да утумун быспат. Мородулар удьуор үлэһит дьон, Халты онтон туора турбатах киһи. Эһэтиттэн салҕыы аҕата Саккай хаалларбыт икки ыанар ынаҕын, ыччат сүөһүтүнүүн, ат уонна атыыр оҕустарыныын, уон сүөһүнү хотоҥҥо кыстатан, уон биэлээх атыырын үөрүн көрөн-харайан олорор. Сүөһүлэрин ахсаанын элбэппэттэр. Кылгас сайыҥҥа отучча туонна оту оттооһун иккиэйэх киһиэхэ элбэх үлэ. Онон бэйэлэрин кыахтарынан көрөн, сүөһүлэрин ахсааныттан ордорон, идэһэлэнэн бөһүөлэктэргэ киллэрэн эргинэллэр. Төһө да дьонтон-сэргэттэн тэйэ олохсуйдаллар, харыларын күүһүнэн быр-бааччы олороллор. Сиэҥнээххэ олохсуйаат, Хадьыйа Саккайтан биир идэһэлэниэхтээх буос бургунаһын уонна ат соноҕоһун лааппыттан уорбут астарыгар-табаардарыгар атастаспыта. Икки өттүгэр туһалаахтык эргитиспиттэрэ. Онон Дьээрэ сүөһүтүн утумнара Сэкэни аньыы баппаҕайыттан быыһанарыгар көмөлөстөхтөрө. Сэкэ аһыыр кэмигэр Даайа ыһык бэлэмнээн, мөһөөччүктээн остуолга уурбутун көрөн: — Тоҕо элбэҕэй? — саҥа аллайбыта. — Ыйаах айаҥҥа ас мэһэйдиэ суоҕа, ат кыайыа, илдьэ бай, — Даайа Сэкэҕэ ийэлии кыһанар, кэлиэҕиттэн оҕоргообута. Таҥнан манааҕытын тутан, саатын сүгэн тахсаары турдаҕына: — Тоойуом, этэҥҥэ сыйыт. Оскуолаҕын быйаҕыма, үөйэн. Үөйэхтээх киһи дьоҥҥо элбэх үтүөнү оҥойой. Үтүө киһи буола улаат, — Даайа Сэкэ хаҥнары ууруммут бэргэһэтин устан, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ алҕаата уонна харахтара ууланан, икки илиитинэн түөһүн саба туттан аан аттыгар туран хаалла. Сэкэ атын мас эрбиир атахтан салҕанан мииннэ. Даайа ыйбыт хайысхатынан, Хабырыыс барбыт суолун булан, атын сэниэлээхтик соруйда. Күнү быһа ат үрдүгэр олорон көһүйэр, тохтоон бөлөдүйбүт этин-хаанын тарҕаппат. Тутуллуон баҕарбат, ыҥыырыгар туора олорон көһүйбүтүн аралдьытар. Ыһыгын хостоон баран иһэн сиир. Халлаан хараҥаран барда. Ата үктэммит суолунан салайтарбакка барар, хараҥаҕа мунуом диэн куттаммат. Ата үүтээҥҥэ тиэрдэригэр эрэнэр. Ыҥыырын туора олорон, нуктуу истэ. Ата сиргэнэн хаһыҥырыы түһээт, туора ойуутугар Сэкэ ыҥыырыттан эһиллэн хаалла. Ата маах бөтөрөҥүнэн иннин диэки түһэ турда. Тоҥуу хаарга чопчу түһэн олордо, туга да ыалдьыбат курдук, кыратык хаҥас бүлгүнэ нүөлүйэр. Ол олорон мастар күлүктүүр хараҥаларын көрдөҕүнэ, тэйиччи соҕус икки ыт аргыый үөмэрдии сыбдыйан иһэллэр эбит. Санаатыгар буолара дуу, ордук харахтара чоҕулуһан көстөллөр. Кый ыраах тайҕаҕа ыттар кэлбэттэрин, бөрөлөр сылдьалларын сэрэйдэ. Халыҥ хаарга сырсан сэниэлэрин эһимээри эрчимнээхтик барбыт аты сырса барбаккалар, түһэн хаалбыты тугун билээри дуу, сиэри дуу иһэллэрин тута өйдөөтө. Бэргэһэтэ суох. Саатын туора кэтэн сүгэн испитэ арахсыбатах. Охторугар хаҥас ойоҕоһунан түһэн саатын үрдүгэр түспэтэх. Көмүскэлэ саата эрэ. Харбаан ылан, сааҕа үөрүйэҕэ өтөн, угулла сылдьар ботуруонун бырахтарымаары, туоһапкатын сомуогун тардан туруорда уонна арыый инники, уҥа диэки иһээччини туһаайан элбэрээгин тардан кэбистэ. Туохха эрэ тапта быһыылаах, кыыла ньыкыс гынна. Ыксаама диэн уоскутуна-уоскутуна, иккис ботуруонун иитиннэ. Бөрөлөрө куоппаттар да, кэлбэттэр да, тугу эрэ манаһардыы сытынан кэбистилэр. Туоһапкатын сыала аанньа көстүбэт, иккиһин туһаайан ытта, бу сырыыга таппата. Буулдьата маска түһэр тыаһа «тас» гынна. Бөрөлөрө иэдэтэлииһи диэбиттии, дьэ туран төттөрү, халыҥ хаарга ойуолаан, бүгүллэҥнэһэ турдулар. Биирдэрэ, таайдахха табыллыбыта, бытаан курдук. Сэкэ бэргэһэтин, боруҥуй да буоллар, охторугар хайа диэки эһиллиэхтээҕин сэрэйэн, харбыалаһан булла. Турбакка олорон толкуйдаата. Даайа: «Лаппа хараҥарыыта үүтээҥҥэ тиийиэҕиҥ», — диэбитэ, онон сылыктаан үүтээҥҥэ чугаһаабытын быһаарда. Үүнэр кэлтэгэй ый борук сырдыгар биир ат үктээбит суола көстүбэт. Маҥан хаар биир кэм туналытан харахтан кистиир. Атаҕын иминэн ат сойбут суолун батыста. Дьолугар үүтээн чугас эбит, баара-суоҕа көс аҥаарыгар тиийэр-тиийбэт сири хаамта. Өссө үөрбүтэ, ата киһи иһэрин биллэ быһыылаах, иҥэрсийэрэ иһилиннэ. Тиийэн кэлбитэ — ата оттоох күрүө ааныгар бааллыбыттыы хамсаабакка турар. Атын кыыл ыыппакка Сэкэҕэ өссө арчыһыта биир үтүөнү оҥордоҕо. Үксүн кыылтан сиргэнэн уйуһуйбут ат соторунан тохтообот идэлээх. Дьону эбэтэр ханыыларын буллаҕына тохтооччу. Ата дьик-дьах, билигин ойон хаалыахтыы чөрбөҥнүүр. Сэрэнэн, үөмэрдии хааман тиийэн атын тутан баайда. Сэкэ чахчы сүргэтэ көтөҕүллэн, ыллыыр-туойар икки ардынан тугу билэрин киҥинэйэ сырытта. Үүтээн аанын баттыгын ылан иһигэр киирдэ. Испиискэтин уматан көрбүтэ, сиэрдийэ маһын хаптаччы суоран оҥоһуллубут остуолга ыһыырынньык бэлэм турарын уматта. Имик-самык сырдыкка үүтээн иһин эргиччи көрдө. Буор холумтаҥҥа тимир оһох, остуол курдук оҥоһуктаах долборук орон, хаҥас истиэнэҕэ биир киһи туттар иһиттээх долбуур бааллар эбит. Орон тайах тириитигэр эрийэ тутан хомуллубут утуйар таҥастаах. Киирэр аан чанчыгар хардаҕас өрөһөлүү кыстаммыт. Тимир оһоххо маһа угуллан уот эрэ даҕайар курдук бэлэм турар. Даайа эппитин өйдөөн кэллэ: «Үүтээни Хабыйыыс хааллайбытын куйдук бэйийэн байаай», — диэбитэ. Саха мындыр, тымныы кыһыннаах айылҕаларын ирдэбилин толорон, айанньыт да, булчут да дьон бэйэ-бэйэлэригэр үтүө оҥорсон, хонор сиргэ сылайан-эстэн кэлэр киһиэхэ барытын бэлэмнээн хаалларар үтүө үгэстээхтэр. Сэкэ ол үгэһи тутуһуон, утумнуоҕун баҕаран Даайа барахсан тоһоҕолоон эттэҕэ. Солуурчаҕар чэй өрүнэн, бөһүйбүт ыһык этин ириэрэн, оһоҕу эбии оттон, наҕылыччы аһаата. Ыксаабат, ата сойуор диэри өссө тоҥ күөс быстыҥа баар. Үүтээн иһэ сылыйан «быр» гына түстэ. Муус түннүк кырыата ирэн килэбэчийдэ. Сэкэ түүрэ тутуллубут утуйар таҥаһы тэлгэттэ. Тайах тириитэ тэллэххэ куобах суорҕан эрийэ тутуллубут. Тотон, сылааска угуттатан утуйан киирэн барар, оронугар сыппат. Аппын аһаппакка утуйан хаалыам диэн көҥөнөр. Төһө да утуйуон баҕарбатаҕын, кэтэммитин-манаммытын иһин, эт-хаан сылаатын таһааран сынньанарыгар, ыйыппакка дьаһанар. Сэкэ — айылҕа оҕото. Онтон туора турбат. Уһукта биэрбитэ, остуолугар саба түһэн, утуйа олорор эбит. Сылаас уутуттан арахсыан баҕарбатар да, өйүгэр кытаанахтык хатаабыт сорудаҕа кыһайан, ситэ уһуктубакка да олордор, тыыллаҥнаан уутун аһарда. Атын сыбыдахтаан, аһатан, тэрилин үүтээҥҥэ киллэрэн, оһоҕун эбэн оттон баран, оронугар сытаат, сүүскэ бэрдэрбиттии утуйан бурулатан хаалла. Сарсыарда уһуктубута, хайа сахха сырдаабыт, айаҥҥа турарыгар хойутаабыт. Таһырдьаттан киирэн, ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан толкуйдаата. Хоммут үүтээнэ барар сирин ортото. Оччоҕо сарсыарда тыҥ хатыыта эрэ мантан хоҥуннаҕына бөһүөлэккэ ыаллар утуйа иликтэринэ тиийэр кыахтааҕа. Түүн билбэт сиригэр хонор ыал булбат. Өссө хонон, түүн ортото туран, сырдыкка тиийэргэ сананна. Сэкэ биирдэ, аҕата сарсыарда аайы көлүнэр атын уулата ойбоҥҥо киирэрин иһин: — Кыһын хаһыы сылгылара хантан уулаан сылдьалларый? — токкоолоспуттаах. Онно: — Хаһыы сылгылара хаары сиэн утахтарын ханнараллар. Көлүүр атын уулатыллар, хаары субу-субу хабыалыы сатаан сүгүн айаннаабат, — диэн аҕата быһаарбыта. Ол кэпсэтиини санаан, тахсан атын хаардаах сиргэ көһөрөн аһатта. Хараҥаҕа кэлэн, атын сиппит үөрүүтүгэр буолан, хайа диэкиттэн кэлбитин үчүгэйдик өйдөөбөт. Таарыйа, Хабырыыс атын суолун хайан, ханан түүн туран барыахтааҕын быһаарда. Киирэн оһоҕун тиҥинэччи оттон, чэй өрүнэн аһаан баран, хос утуйардыы сытта да, утуйан хаалла. Уһуктубута киэһэрбит. Кэллэ да оттуллар курдук бэлэмнээн барыахтааҕын өйдөөн оһоҕун оттубата, ат үрдүгэр аһыахтааҕар дии санаан, этин төһө иһэ ыларынан сиэтэ. Даайа эппитин курдук барытын бэлэмнээтэ. Түүн ортотун күүппэккэ, түүннэри барарга сананна. Атын Хабырыыс атын суолугар киллэрдэҕинэ батыһан бара туруоҕун саарбахтаабат.
Саатын сүгэн, атын миинэн, таһыттан көрдөххө кырачаан оҕо үүтээн тиэргэниттэн арҕаа барар ат суолунан, Дьылҕа Хаан олоххо үөрэтэр саҥа эриирин-мускуурун көрсө, лиҥкинэс тииттэр быыстарыгар киирэн сүтэн хаалла. Сырдырҕас тымныылар ааһан, күн уһаан, күнүс ылааҥытыйан, харалдьык тахсар, түүнэ дьыбарданар кэмэ. Тайҕа кыһыҥҥы ууттан уһуктан, тыыллаҥнаан эрэрин курдук киһи этинэн-хаанынан ылынар. Уу чуумпу, арай ат тоҥмут хаары кэһэн курдурҕатара, баран иһэрин биллэрэрдии, хаһан эмит тыбыырара иһиллэр. Кытаанах тымныы тыыннааҕын да иһин, ийэлии аламаҕай хаардаах-муустаах дойдуну саха киһитинии таптаан, сылдьар ыыр оҥостубут кыыл-сүөл утуйа сыттахтара. Төрүт дойдуларыгар тыыннаах, этэҥҥэ сылдьар охсуһуутугар мөхсөр барахсаттар ууларын аймаан, сур бөрөлөр өллөнөөрү сундулуһа сырыттахтара. Сэкэ бөрөлөр кэлиэхтэрэ диэн куттаммат. Хойомууннанан барбыт бөрө бааһа оһуор диэри бултаһа тахсыбатын, оттон олохтоох үөр ыырыгар атын үөр чугас сыбыытаабатын аҕатын кэпсээниттэн билэр. Бөрөлөр ийэ ууһунан үөрдэһэллэр диирэ. Тоҕо иккиэйэх бөрөнү көрсүбүтүн быһааран билбэт. Сырыы бөҕөнү сылдьан, миҥэтийбит саха булчут киһитин эрэллээх аргыһа ат иччитин санаатын билэн иһэр курдук сэргэх иһээччи. Халты тоҥуу хаары оймотон барбыт суолунан хааман дьүкүлдьүйэн иһэр. Кини тиийиэхтээх сирдэригэр тиийдэхтэринэ тохтоон сынньаныллыахтааҕын өйдүүр. Нооруостуу сатаабат. Сэкэ ат хаамыытын биир тэҥ эйэҥнэтэ бигииригэр нуктуу иһэр. Билигин көхсө киэҥ. Халты суолунан ата булгу дьон олорор сиригэр тиэрдиэхтээх, тиийэн ханна барыахтааҕын, тугу гыныахтааҕын тобулбат. Сэкэ ньүкэн, ыйыттах аайы умса түһэн испэт, чобуо, чөллөркөй оҕо эрээри, тугун-ханныгын билбэттэн ханнык баҕарар киһини санаата баттыыр. Хараҥа түүн ааһан, сырдаата. Күн болҕойон көрбөт киһиэхэ биир сиргэ ыйанан турарга дылы. Кэтээн, күнүнэн сирдэтэн айаннаатахха түргэнник устарын көрдөрөр. Саҕахтан тахсан иһэрэ баара, хайа сахха үөһэ ойбут буолар. Киэҥ айаан саҕатыгар, ыарҕа талаҕа суох ырааһыйаҕа турар толуу тииккэ улардар олороллорун көрдө. Булчут киэбэ киирэн Сэкэни өрүкүнэттэ, сүрэҕэ битигирии тэптэ. Сатыы сылдьан ыппат этэ, эбии таһаҕас сүгүөн ыарырҕатара. Билигин бултаһарга оҥоһунна. Сүгэһэрдьит аттаах уонна киллэрбит ыалга кэһии гынар санааланна. Кэрии мастарын быыһынан чугаһаан баран атыттан түһэн, маска баайда. Хаар халыҥа самаҕынан, үөмэн ытар сиргэ тиийдэ. Аллара олорооччуну кыҥаан ытта. Улара хамсаан да көрбөтө. Буулдьата тэйиччи алларанан ааһан, улара билбэтэҕин сэрэйдэ, сыалын ырааҕын кэмин туруорбакка ыппыт. 70 миэтэрэҕэ туруоран ытта. Тапта, улара көтөрдүү сапсыммытынан түстэ. Үөһээҥҥилэр моонньуларын куллутан аллара көрдүлэр. Көппөттөр, олороллор. Аһыы түстэ диэн кыһаллабаттар быһыылаах диэн Сэкэ сэрэйэр. Иккиһин ытта, тапта, эмиэ сарыкынайан түстэ. Үсүһэ кулаачыктанан түстэ. Дьэ, атыттара көтөн таҕыстылар уонна сис ойуур үөһүн диэки, мастары кырыйа көтөн, кынаттарын тыаһа куһугуруу турда. Сэкэ улардарын хомуйан атыгар кэлэн, манааҕытыгар уган төргүүтүгэр баайда. Атын миинээри өйдөөбүтэ, салҕабыра суох тиийэн мииммэт. Салҕабыр көрдөөтө. Түҥ тыаҕа ким кэлэн мас кэрдэн чөҥөчөк таһаарыай. Чочумча көрдөөн охто сытар маһы булан миинэн, барар суолугар киирэн салҕыы айаннаата. Сырдыкка Сэкэ утуктаабат. Саҥаттан саҥа көстүүлэр солбуйсан, биир дьиктини атын кэрэ быстыспакка салҕыы кэлэн иһэллэр. Кинилиин тулалыыр айылҕа кэпсиир, кэпсэтэр, ыҥырар курдук. Өйүгэр сыымайдыы иһэр, лиһигирэс тииттэргэ тииҥнэр аһыы олорор буолуохтаахтар. Аҕата: «Быйыл тиит туорааҕа үчүгэй, тэллэй үүммүт, тииҥ тиит ойуурга баар буолуохтаах», — диэн бултуу үүтээннэриттэн тахсар бастакы күнүгэр эппитэ. Ол көстөр талах быыстаах ойуурга куобахтар, туртастар талахтаан сии сылдьалларын көрөр курдук. Сыҕарыйдар сыҕарыйан күн күнүскү чэй кэмин ааста быһыылаах. Аччыктыы быһыытыйда. Атыттан түспэккэ, хаамтаран иһэн ыһык этин хостоон сиэри эргиллибитэ, улардарынан баттатан кэбиспит. Түһүөн баҕарбат. Атын миинэрэ эмиэ эрэдээктээх. Айаннаабыт кэмин аттаран көрдөҕүнэ, бөһүөлэк чугаһаабыт буолуохтаах, муҥутаан көс аҥарыттан кыра ордук хаалла диэн суоттанар. Ата кулгаахтарын чөрөтөн, хаамыытын түргэтэтэн барда. Сэкэ сэрэхэдийэн иннин болҕойон көрбүтэ, сыарҕа суолугар киирэн эрэр. Суолу батыһа көрбүтэ, иннигэр саһаан тиэйиилээх сыарҕалаах ат кэнниттэн биир киһи хааман иһэр. Эргиллэн Сэкэни көрдө. Ойуур омоон суолунан кыра оҕо аттаах тахсан кэлбитин дьиктиргээтэ быһыылаах. Саһаан кэлгиэтигэр эрийэ туппут буоһуутун ылан: «Трр, фуу-уу», — атын тохтотто. Саппыйатын хостоон таһааран табах эринэн, күүтэн турдулар. Сэкэ тиийэн кэлбитигэр: — Хайа, тукаам, бачча кыра киһи аттанан-атыырданан хантан иһэҕин? — ыйыта тоһуйда. — Туруйалаахтан иһэбин, — атын оройуон сиригэр дьонтон-сэргэттэн тэйиччи бүгэн турар Туруйалаах сыһыытын сыһыытын киһи барыта билэринии эппиэттээтэ. — Ол ханнааҕы сирий? — мас тиэйээччи ситэри токкоолосто. — Мантан ыраах. Ортотугар хонон тиийиллэр, — Сэкэ атыгар олорон, кэлбит сирин диэки эргиллэн, сапсыйан кэбистэ. — Оччо ыраахтан туох соруктаах айаннаан иһэҕин, тукаам? — Аҕабыныын бултуу сылдьан мунан хаалан баран сылдьабын. — Иэдээҥҥэ түбэһэн сылдьар оҕо эбиккин. Аатыҥ-суолуҥ ким диэний, тоойуом? Мин Тарас Түмэппий диэммин, ити Тарааһап диэн араспаанньабын дьон таратан ааттыыллар, — бэйэтин билиһиннэрдэ. — Аатым Сэмиэнэп Сэмэнчик, аҕам аата Дахха Сэргэй диэн, — кыра оҕо аатырымаары дуоспуруннана сатаата. — Хайа, доҕоор, билэр киһим оҕото эбиккин буолбат дуо? — Тарас сэргии түстэ. — Сэриигэ бииргэ баран турабыт. Араартыахтарыгар диэри бэркэ тапсан сылдьан испиппит. Кини саастаах буолан бэттэх хаалбыта, биһигини арыый эдэрдэри Молотов куоракка сэрии үөрэҕэр үөрэтэ илдьибиттэрэ, — Тарас хантан Дахханы билэрин кэпсээтэ. Айыы Тойон Сэкэҕэ өссө биир үтүөнү анаан утары ууммут. Ону оҕото бэрт буолан, орто дойдуга олордо айан ыытар киһитигэр Айыы Тойон таҥара олоҕун ыллыгын Дьылҕа Хаан ыйааҕа оҥорон ыытар диэн саха итэҕэлин билэ илик. Сэкэ аҕатын үөлээннээҕин көрсөн, үөрэн сытыы хара харахтара чоҕулуһа түстүлэр. Ыйыа-кэрдиэ, сүбэлиэ-амалыа диэн бүк эрэннэ. — Тоойуом, чэ, биһиэхэ бардыбыт. Оскуолаҕа саһаан тиэйэр үлэлээхпин. Ыраах саһааннаан кэбиһэннэр эрэйдээтилэр. Мантан бөһүөлэк түөрт биэрэстэ курдук, — атын буоһуутун илгиэлээн «ноо» диэн соруйда. Сэкэ ата сорутуута суох сыарҕа кэнниттэн батыста. Түмэппий саһаанын оскуола тиэргэнигэр киллэрэн тохто. Онтон дьиэтигэр бардылар. Түмэппий дьиэтэ оскуолаттан олус ырааҕа суох эбит. Тиэргэҥҥэ киирэн аттарын оттоох күрүө таһыгар баайдылар. Сэкэ дьиэҕэ киирэн, саҥата суох аан чанчыгар турда. Баччыйбыт уол оҕону көтөҕө сылдьар сахаҕа орто уҥуохтаах хатыҥыр, эдэрчи дьахтар: — Хантан оҕо булан кэллиҥ? — Сэкэ таҥаһын-сабын көрөн дьиктиргээбиттии ыйытта. — Дьэ, буллум, доҕор. Хата, чэйдэ бэлэмнээ, ыраахтан иһэр киһи. Ирэн-хорон баран кимин тугун кэпсиэ. Билэр киһим оҕото эбит, — Түмэппий таҥаһын сыгынньахтана туран эмээхсинигэр кэпсээтэ. — Хайа, тоҕо аан сыҥааҕын өйөөтүҥ? Сыгынньахтан, кэмчиэрийимэ, доҕор, — Сэкэҕэ эттэ. Тарас Түмэппий ойоҕо Арыппыай сытыы-хотуу чочоҥолообут дьахтар. Түмэппий, киниэхэ холоотоххо, модьу-таҕа, наҕыл киһи, хата тыла-өһө тас көрүҥүн сабырытар сытыы, дьиибэлээх-хооболоох. Чэйдии олорон Сэкэни муммут быһылаанын ымпыгын-чымпыгын сирийэн кэпсэттэ. Сэкэ хайа сахха уустаан-ураннаан кэпсииргэ үөрэннэ. Ирэн-хорон, омуннуран ыла-ыла, үөрэҕин быраҕан барыаҕыттан Түмэппийи көрсүөҕэр диэри сырыытын олорчу кэпсээтэ. Тарас Сэкэ кэпсээн бүппүтүгэр: — Сырыы бөҕөтүн сылдьыбыккын, улахан да киһи ситэн сылдьыа биллибэт, — хайгыыр хабааннаахтык. — Сэмэнчик мин сэриигэ ыҥырыллан тимир суолтан арахсыахпытыгар диэри бииргэ айаннаабыт үөлээннээҕим Дахха Сэргэй оҕото. Сэргэй сахаҕа үөскүлэҥ, кыанар киһи саастаах буолан аара хаалбыта. Биһигини салҕыы илдьибиттэрэ. Элбэх киһиттэн бэлиэтии көрүллэр, туттардыын-хаптардыын дьоһуннааҕа. Үтүө киһи быһыылааҕа, — Тарас эмээхсинигэр кэпсиир. Тарас арҕаа сэриигэ сылдьан улаханнык эчэйэн, 1944 сыллаахха сыыйыллан кэлбитэ. Билигин оскуола хаһаайыстыбатын көрөр үлэһитинэн сылдьар. Тарастаах Араппыай сэрии иннигэр ыал буолбуттара. Ити ийэтин кэнниттэн саһан көрөр кыыстара Саргы кыһыл оҕо хаалбыта. Көтөҕүллэ сылдьааччы кэлбитин кэннинээҕи оҕолоро. Түмэппий саҥата суох олорон, баттаҕын имэриммэхтээн баран: — Маннык гыннахха сатаныыһы. Сарсын оройуон киинигэр милииссийэҕэ киирэ сылдьыыһыкпыт. Онно барытын кэпсээн кырдьыгы быһаарыахха. Ол саанар дьонуҥ сырсан кэлэллэрэ буолуо. Кыра сааһын ситэ илик оҕону сууттаан хаайбаттара биллэр. Кинилэр туох диэн кэпсиэхтэрэ биллибэт. Онон сарсын барыахпыт. Билигин аккын тахсан сыбыдахтаа. Киэһэлик аттарбытын куонньукка илдьиэхпит, — Түмэппий сарсыҥҥы күнүн быһаарда. Сэкэ таҥна охсон тахсан атын сыбыдахтаата. Киирээри манааҕытын сүгэн киллэрдэ. — Ботуоҥкаҕын таһааран хочуоҥхаҕа ууруохпут, — Араппыай бөскөччү симиллибит манааҕыны көрөн. Сэкэ манааҕытын сүөрэн, улардарын хостоон муостаҕа уурталаата. Ону көрөн олорон Түмэппий: — Муннаргын да бултуу сылдьар эбиккин дии, — сөҕөр. Түмэппий тыаҕа куобахха эҥин сааланар да, бачча сааһыгар дылы улары бултаан көрө илик. Кэлэн биир хара улары илиитигэр ылан эргитэ-урбата, кичэйэн көрдө уонна: — Чахчы үтүө көтөр эбит. Ол иһин хара улар кэпсэлгэ сырыттаҕа.
Сэкэ күүлэҕэ таһаараары манааҕытын бобо тарпытыгар Тарас: — Бултаргын тоҕо хааллардыҥ, ирэн хаалыахтара, хочуоҥка хатанар, ыт киириэ суоҕа. — Эһиэхэ кэһиим дии. Хоннорбут ыалга кэһии гынаары бултаабытым. Манна кими да билбэппин буоллаҕа, — Сэкэ быһаарар. — Сүрдээх киһигин, доҕор. Муна, куота сылдьан өссө кэһиилэнэр толкуйдаах, — Түмэппий баһын хамсата-хамсата, сөҕөр, хайҕыыр икки ардынан саҥарда. Салҕыы: — Бу биири хааллар, иккитин уктан кэбис. Сарсын да кэһии наада буолуо. Сэкэ утарса барбата, улардарын иккитин төттөрү укта уонна Араппыайдыын манааҕытын таһааран хочуоҥкаҕа уурдулар. Киирэн Араппыай бэлэмнээбит утуйар таҥаһыгар сытаат, утуйан хаалла.
Содержание
Уһук Уйбаан
1 чааһа (Хомунуу)
Атырдьах ыйынааҕы киэһээҥҥи борук-сорук. Ойуур быыһынан, ынах ыллыгын устун, сүүрэр-хаамар икки ардынан уол оҕо тойтоһуйан иһэр. Өрбөхтөртөн аттарыллан тигиллибит манааҕы сүгэһэрдээх, отут иккилээх элбэрээк чыыбыстаах саатын уҥа бүлгүнүгэр умса иилиммит, онтун уоһа сүөһү олуктаан таһаарбыт тэҥкэ тииттэрин силистэригэр тардыллан атаҕын охсуолаталаан ылар. Таһыттан көрдөххө, аҕыстаах-тоҕустаах, булт абылаҥар таттаран, оҕо оҕото өтөн, үлүһүйэн, хойутаабыт. Дьиҥэр, бу күһүн Өктөөп бырааһынньыгар уон үһүн туолуохтаах, Дахха Сэргэйдээх кыра уоллара Сэкэ Сэмэнчик. Сэмэнчиги ийэлээх аҕата Сэкэ диэн таптаан ааттыыр ааттара. Оскуолаҕа үөрэнэ тиийдэҕинэ эрэ Сэмиэнэп Сиэҥкэ диэн ааттанар. Сэкэ, сааһыгар холоотоххо, уҥуоҕунан кыра эрээри, көрүҥүттэн таһынан бэйэтин кыанар, мээчик курдук тэйэр, тииҥ курдук кытыгырас оҕо. Сэкэ аҕата Дахха Сэргэй модьу-таҕа, кэтит-киппэ көрүҥнээх улахан аҥкыйбыт, наҕыл, киэҥ көҕүстээх, элбэх саҥата суох, сахаҕа дуоспуруннаах дэнэр, туппутун ыһыктыбат дьирээ киһи. Күүһүргээн да, ыһыахтарга тустан да дьоҥҥо-сэргэҕэ күүһүн-уоҕун көрдөрбөтөҕүн да иһин, нэһилиэгэр кытаанах киһинэн билинэллэр. Дахха түөрт уон үһүс сыллааҕы сайыҥҥы хомуурга, икки сыллата уолаттарын кытта ыҥырыллан сэриигэ барбыттара. Ол кэмҥэ улахан уола Байбал уон тоҕустааҕа, кырата Дэниис уон аҕыһын туолан сылдьар этэ. Дахха бэйэтэ Байкал байҕал чугаһыгар сэриигэ ыытарга анаан, аттары айааһаан бэлэмниир байыаннай чааска сылдьыбыта. Байбаллаах Дэниис Молотов куоракка тиийэн кылгас кэмнээх сэриигэ бэлэмниир үөрэҕи баран, арҕааҥҥы боруоҥҥа ыытыллыбыттара. Түөрт уон түөрт сыл сайыныгар ийэлэрэ сэрии хонуутугар дьоруойдуу охтубуттарын туһунан биллэриктэри утуу-субуу туппута. Дахха Дьоппуон сэриитэ бүппүтүн кэннэ, Өлүөнэ баһыттан бүтүгэс борохуотунан Дьокуускайы булбута. Онтон үс буолан, бииргэ сылдьыбыт доҕотторун кытта сатыы хас да хонон айаннаан, дойдутун булбута. Ол кэлэн сылгыһытынан ананан, колхуоһун кииниттэн аҕыс көс тэйиччи сытар төрөөбүт төрүт дэриэбинэтиттэн, өссө үс көстөөх Хараанай диэн от үрэхтээх сүөһү кыстатар түбэлэригэр кэргэниниин Балбааралыын көһөн тиийэн олохсуйбута. Көһөн тиийэн буолуо дуо? Балбаара сэрии сылларыгар Хараанайга олорбута, кыһын субай сүөһү көрсөрө, сайын устунан оттууллара. Судаарыстыбаҕа эт туттарыытын былаана булгуччулаах, кытаанахтык ирдэнэр сорудахтааҕа. Онон, күһүн эккэ барыахтаах сүөһүнү төлөһүтүү биир сүрүн үлэнэн ааҕыллара. Сахалар былыр былыргыттан ыччат сүөһүнү кыстыгы сэниэлээхтик туоратан, сайыҥҥы мэччирэҥҥэ эт туттаран төлөһүтэр үгэстэрин холкуос бэрэссэдээтэлэ алта уончалаах, Сэмээр Сэмэн бэркэ билэрэ. Ону тутуһан эккэ барыахтаах сүөһүлэри талан, олорон турбат хатыгырас, кыһаллыгас дьахталлары субай сүөһү көрөргө анаталаан Хараанайга кыстатара. Сэмээр — Дахха бииргэ төрөөбүт балтын Балаагыйа эрин аҕата. Дойдутугар сэттэ кылааһы бүтэрэн, соторутааҕыта тэриллибит холкуоһугар икки сыл үлээбитин кэннэ, холкуоһун бырабылыанньата быһаарыытынан, салҕыы Дьокуускайга тыа сиригэр орто сүһүөх салайааччылары бэлэмниир үөрэххэ ыыппыттара. Үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн колхуоһугар биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланар кыһыныгар холхуос сылы түмүктүүр уопсай мунньаҕар бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Сэмээр Сэмэн наҕылыччы, саҥата-иҥэтэ, тыаһа-ууһа суох оҥорор, бүтэрэр-оһорор дьаһахтаах, «тииҥ мэйии» дэнэр киһи. Икки сылтан бэттэх Хараанайы сылгы кыстыга оҥорбуттара. Даххалаах кыһын сылгыларын Хараанайдарын тула хастарыылаах сирдэринэн сыҕарыта сылдьан хастараллар, сааһыары төрүөх биэлэр ыарырҕатар кэмнэриттэн, сайын сүрүн үлэлэрин быыһыгар оттообут отторунан аһаталлар. Дахха сылгыларын кыһын эрдэ отунан эбии аһаппат. Онтун, бэлэм окко эрэҥкэдийэн аанньа хаһан аһаабат буолаллар диэн быһаарар. Дэриэбинэҕэ лааппыттан ыһык ыла эрэ киирэн тахсаллар. Үрүҥ ас туораттан эбиммэттэр. Биир ынахтарын үүтэ бэйэлэрин айахтарыгар тиийэр. Оччолорго, сэрии кэнниттэн кытта, бэйэҥ тыһаҕаскын да идэһэлэриҥ көҥүллэммэтэ. Дахха, сылгыһыт киһи, ат ааттаахтарын солбуйа миинэн, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан туһахтаан, сохсолоон, сааланан булт арааһын бултуур. Онон, кыһыҥҥы өттүгэр сүрүн аһылыктара булт, тайах, куобах, тииҥ уонна мас көтөрүн арааһын эттэрэ. Сайыҥҥы өттүгэр «хара» аһылыктара куска, балыкка көһөр. Дахха күөллэрин солбуһуннара сылдьан илимниир, оттон Сэкэ олохторуттан чугас сытар күөлгэ туулуур. Сүрүн кусчуттара Сэкэ. Саа сэбэ кэмчи буолан, үксун тиргэлээн бултуур, күһүөрү кустар бараары үөрдэһэр кэмнэригэр сааланар. «Доруоп» сааҕа саа сэбэ суоҕун кэриэтэ этэ. Даххаҕа, кыһын түүлээхтиир кэпсэтиилээх буолан, «туоһапкатыгар» ботуруон, «доруобар» саа сэбэ, буорах, доробууна, бөстүөн түүлээх соҕотуопкатын тэрилтэтэ кыһыҥҥы булт кэмигэр кэмнээн биэрэллэрин ылар. Бэйэлэрин бөһүөлэктэрэ, холкуос биригээдэтин киинэ Күрүөлээх түөрт кылаастаах оскуолалаах. Холкуос киинэ Харыйалаах сэттэ кылаастаах оскуолатыгар, Сэкэ быйыл иккис сылын үөрэнэ барыахтаах. Быһаас бэһис кылааһы күһүҥҥү туттарыылаах тахсыбыта. Сэкэни киһи үөрэҕэр мөлтөх диэбэт оҕото. Сытыы, түргэнник өйдүүр буолан, нуучча тылыттан атын биридимиэттэргэ «түөртэн» итэҕэһэ суох үөрэнэр. Ахсааҥҥа кылааска бастыҥнара. Дьэ, нуучча тылыгар өлөн түһэр. Ордук этэн суруйтарыыга, ааҕан биэрбити суруйууга «иккиттэн» ордугу ылбат. Хаһан эмэ «үһү» ыллаҕына улахан үөрүү. Сарсыарда Сэкэ аҕатыныын күһүҥҥү туттарыытыгар Харыйалаахха барыахтаах эрээри, үөрэх эрэ туһунан санаабат, хараҥарыар диэри кустуу сырыттаҕа ити. Тиэргэнигэр киирбитэ, ыта Бахсыр хайы үйэ кэлбит, хата утары эккэлии көрүстэ. Сэкэ дьонуттан улаханнык мөҕүллүө суохтааҕын билэр да, син буруйдана санаан дьиэтигэр аанын сэмээр аһан киирдэ. Ийэтэ Балбаара уолун күүтэ сатаан түбүгүрбүтэ сирэйиттэн-хараҕыттан көстөр. Балбаара — сытыы-хотуу көрүҥнээх, барытын ааһан иһэн оҥорор түргэн-тарҕан, татыгыратан эрэр курдук түргэн саҥалаах, биэс уончатын ааспыт кыра, хатыҥыр дьахтар. — Хайа, тоҕо олус хойутаатыҥ? — ыйыта тоһуйда. Аҕата оһох иннигэр талах олох маска ыһыырынньык уотугар тугу эрэ кыһа олорон, үлэтин тохтоппокко, хайыһан да көрбөккө: — Сарсыарда эрдэ айанныахтаахпытын умнан сылдьаҕын дуу, доҕор? — диэн эйэ дэмнээхтик тыл кыбытта. — Быйылгы куска бүтүгэс күммэр элбэҕи өлөрөөрү сылдьа сатаатым, —диэн Сэкэ боччумнаахтык эппиэттэһэр. — Кыһан бүт, аһыахха. Сэкэ таҥаскын уһул, кураанах таҥаста кэт, итиннэ хаҥас ороҥҥо бэлэмнээбитим, — Балбаара оһоххо кытыыга тардыллан турар чугуунтан хобордооххо кус этин хоторо-хоторо, айаҕа-илиитэ тэҥҥэ хамсыыр идэтинэн, дьаһайар. — Ол, туруулаһан бултаан хас кустанныҥ? — Дахха уолуттан ыйытар. — Икки көҕөнү, биир моонньоҕону, икки халбаны, үс чыркыйы ытан ыллым, тиргэбэр бу сырыыга туох да суох, кус үөрдээбит, барарга бэлэмнэнэн эрэллэр быһыылаах, — Сэкэ, мэлдьи буоларын курдук, бултаабытын ааҕан эппиэттээтэ. — Сэкэ, үөрэҕиҥ тэрилин хомуммутуҥ дуо? Миэхэ эрэнимэ, онно орооспоппун, — Балбаара салҕыы эригэр: — Балтыгар киллэрэр кэһиигин сымаҕа укталаан бэлэмнээн, хоспоххо уурбутум. Сарсыарда туран көрүнээр, сааһыланаар эрэ. — Сарсыарда айанныыр кыахтанарбыт дуу, киэһэнэн халлаан лүҥкүрбүтэ сүрдэннэ, улахан ардах кэлээри гынна быһыылаах, дьарҕам ньүөлүйэр, — Дахха биттэнэр. — Сайын устата кинигэ тутан көрөөхтөөбөтүҥ, күһүҥҥүгүн туттарарыҥ дуу, саарбах. Быһааскыттан тугу эбиммит үһүгүн, — таах, саҥата суох олоруохтааҕар Балбаара уолун хомуруйар. — Ээс, алтыс кылааска хос үөрэммэппин, «иккини» биэрдэхтэринэ дьиэбэр төннүөм. Хата, аҕабын кытта бииргэ бултуохпут, — Сэкэ үөрэнэргэ таласпатын этэн таһаарда. — Хайа, доҕоор, аныгы киһи үөрэхтээх буолара булгуччулаах. Аармыйаҕа сырыттахха кыра үөрэхтээх куһаҕана сүрдээх этэ. Билбэтиҥ-көрбөтүҥ элбэҕэ, мэлдьи киһи кэннигэр сылдьаҕын, тутах киһинэн көстөҕүн, оннук сананаҕын, — Дахха бэйэтин этинэн-хаанынан билбитин, кыра үөрэхтээҕиттэн кэмсинэрин кырдьыгынан уолугар өйдөтөр. Сэкэ күнү быһа сүүрэн-хааман аччыктаабытын дьэ билэн, кус түөһүн этин уобалыы-уобалыы, сойон эрэр кус сэлиэйдээх миинин сыпсырыйбахтаата. Аһаан бүтэ охсон, таһырдьа тахсардыы хомунна. — Бачча түүн ханна бараҕын? — ийэтэ, сэргэх киһи, уруттаан ыйытта. — Итиннэ чугас, туһахтарбын эһэн кэлиэм, — диэт, таһырдьа элэс гынан хаалла. — Булка сүрэхтээх киһи буолсу, — Дахха уолун хайгыыр дуу, дьылҕалыыр дуу курдук, бэйэтэ бэйэтигэр саҥарда. Сэкэ үөрэнэригэр Харыйалаахха аҕатын бииргэ төрөөбүт балтын аахха олорооччу. Дахха балта, Балбаараттан балыс. Балаагыйа эмдэй-сэмдэй оскуолаҕа үөрэнэр үс уол оҕолоох. Аҕалара Тэрэпиис Даххалааҕы кытта сэриигэ ыҥырыллыбыта. Байбаллааҕы кытта бииргэ байыаннай үөрэххэ сылдьыбыта эрээри, бүлүмүөккэ үөрэтиллэн, боруоҥҥа Байбаллаахтан атын эшелонунан барбыта. Сталинградтааҕы кыайыы кэнниттэн, ол хайысхатынан сэриилэһэ сылдьан, кимэн киириигэ барсан иһэн иккис бүлүмүөтчүгүнүүн сэргэ охтубуттара. Дахха балта тиийиммэттик олорорун билэр, онон булт этинэн, туох кыайарынан көмөлөһө сатыыр. Сэрии кэнниттэн аҕата суох, тулаайах оҕолор нэһилиэккэ элбэх буолан, Сэкэни, аҕалаах диэн, интэринээккэ ылбаттар. Балаагыйа икки улахан уолаттара Миитэлээх Биэдьэ интэринээккэ олорон үөрэнээччилэр. Сэкэлиин биир сыллаах кыра уолун, Куолуһу интэринээккэ биэрбэт. Кыратын чугас, илии-атах гынан илдьэ сылдьаары буолуо уонна биир дьиэттэн икки оҕону ылбыттара улахан үөрүү. Эһэлэрин Сэмээр Сэмэн аата көмөлөстөҕө. Сэмэн бэйэтэ тыл таһааран көрдөспөтөҕө чахчы. Кини оннук көнө, сэмэй киһи, ааттыын Сэмээр. Сэмээр Сэмэн орто уҥуохтаах, сырдык хааннаах, оҕо сылдьан хаҥас атаҕын тобугун уҥуоҕун алдьатан, онто тобугун сүһүөҕэ хамсаабат курдук көнө оһон, хаҥас атаҕа көлө. Ол эрээри, хаһан да дьонтон хаалан кэнники испэтэх киһи. Көлө атаҕын эрийэ тэбэн атыллаан, доҕолоҥнуурун киһи өйдөөн көрбөт. Арай ыксаатаҕына, хаамара дьиэрэҥкэйдээн иһэр курдук көстөөччү. Сэмээр олус көнө майгылаах, сахалыы сиэри-туому тутуһар, бэрэссэдээтэлбин диэн бэйэтигэр ордук-хоһу ылыммат, баламата суох киһи. Сэрии сылларын ыар кэмнэригэр нэһилиэгин дьонун хоргуппатаҕа. Күһүн күөллэр муустара туран, муҥха кэмэ буолуута, нэһилиэгин дьонун түмэн муҥхалатара. Муҥхалара эһэлэрин сахтааҕы, кылынан бааллыбыт, эргэрдэр да туһалыыр. Сайын оҕонньоттор биригээдэлэрин тэрийэн балыктатара. Кыра да буоллар, кистии-саба хортуоска, бурдук ыстарара. Боруоҥҥа ыытарга туттарартан ордубутун барытын учуокка ылан холкуостаахтарыгар түҥэттэрэрэ. Биэрмэ холбуйбут үүтүн суораттатара. Мас уһаакка оҕус сыарҕатыгар тиэйтэрэ сылдьан, кими да матарбакка, өлүүлэтэн бэрдэрэрэ. Ол — аччыктааһын сатыылаабыт кэмигэр улахан өйөлтө этэ. Сэмээр Харыйалаах нэһилиэгин дьонугар таҥара курдук буолбут, утары саҥарыллыбат, ытыктанар киһи. Кини мин сиэннэрбин интэринээккэ ылыҥ диэн таайтаран да тылын тиэрдэргэ санаата тиийбэтэҕэ чахчы. Сэмээр Сэмэн, оннук ыраас дууһалаах, сахалыы сиэрдээх-майгылаах, айыы киһитэ. Тыа дьоно, үксүн, ыаллары ким дьоҥҥо-сэргэҕэ ордук биллэринэн ааттааччылар. Харыйалаахха Сэмэннээҕи кылгастык Сэмээрдэр диэн ааттыыллар. Онтон Сэмээр өһүргэммэт, аатын курдук ылынар. Тиихэнэп Сэмэн Уйбаанабыс диэн аатынан оройуонтан боломуочунайдар, нолуогабай ааҕыннар таҕыстахтарына эрэ ааттанар курдук. Сэмээр аатыгар сабырыттаран эмээхсинэ Харытыана аата ааттаммат даҕаны. Харытыана аҕыйах саҥалаах диэҕи, уус тылынан эҕээн-доҕоон, ойуулаан-оһуордаан кэпсээн киирэн бардаҕына, киһи иһиттэр истэн олоруох курдук. Бэйэтиттэн бэйэтэ сиэттиһэн тахсан иһэр, баай төрүт ийэ саха тылын илдьэ сылдьарын, бэйэтэ да билбэтинэн, истээччитигэр өйдөтөр. Харытыана саҥа эрэ таҕыстын диэн хобооро сылдьыбат дьахтар. Буолумуна, удьуордара илин эҥээргэ биллэр тойуксут, ырыаһыт, уус тыллаах дьоннор. Удьуор утума умнуллан, сүтэн симэлийэн хаалбакка, салҕанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕэ. Сэмээр эдэр сылдьан Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан билсэн, Харытыанатын дойдутугар илдьэ кэлбитэ. Онтон ыла Харытыана төрөөбүт түөлбэтигэр биирдэ да баран кэлбэккэ, Харыйалааҕы дойду оҥостон олорор. Сэмээрдээх кыыстаах уол оҕоломмуттара. Кыыстара үөрэнэ сылдьан эргэ тахсан, үөрэхтэрин бүтэрээт, устунан хоту оройуоҥҥа учууталлыы барбыттара. Ол дойдуга олохсуйбуттара. Субуруччу үс кыыс оҕоломмуттара. Дьэ дьикти, Аар тойон Айааччы ардыгар киһиэхэ өйдөммөт соҕустук дьонун, дьылҕатын анаан биэрэр. Сэмээр Сэмэн уолугар үс уолу, кыыһыгар үс кыыһы анаталаан биэрбит, уолун, кыыһын булкуйа соҕус биэриэҕин. Сэкэ ааны тэлэйэ баттаан, биир бороҥ куобаҕы салыбыраппытынан, көтөн түстэ. — Бу киһи чахчы байанайдаммыт күнэ үүммүт дии, — Дахха уолун сэргии көрүстэ. Сэкэ туһахтыырга үөрүйэх булчут. Аҕата сэриигэ барыан аҕай иннинэ, илдьэ сылдьан куобахха, мас көтөрүгэр хайдах туһах иитэри үөрэтэн барбыта. Саха мындыр киһитэ, быстар-ойдор кэмнэргэ, хара тыа барахсан, булдунан-алдынан саханы өбүгэлэр сахтан абырыырын билбэт буолуо дуо? Сэкэ ол үөрэҕи сыыска түһэрбэтэҕэ, аҕатын солбуйан, сэрии сылларын аас-туор олоҕун кэмнэригэр туһахтаан, кэмчитик да буоллар сүөһү кыстыгын үлэһиттэрин аччыктааһынтан быыһаспыта. Сэкэ аҕата сэриигэ ыҥырыллан барбыт кыһыныгар тиийиммэт-түгэммэт, аччык кэмнэрин биир түбэлтэттэн умнубат курдук өйүгэр хатанан хаалбыта. «Куһаҕан сиэтиилээх буолар» диэн саха этэринии, ол сылларга сайынын уот кураан түһэн, сир аһа умайан, тайҕаттан кыыл-сүөл күрэнэн, аҕыйаабыт курдуга. Үлэттэн быыс булан олохтоохтук бултуур кэм суоҕа, сэриигэ барыан иннинэ, бааттаах булчут бэйэтэ, Дахха да тыаттан үгүстүк тутуура суох кэлэрэ. Сатаатар, тоҕо эрэ, түүлээх туттарарга холкуоска сорудах кэлбэт быһыылааҕа, саа сэбинэн хааччыйбаттара, ханна да суоҕа. Онон Сэкэҕэ аҕата саа сэбэ хаалларбатаҕа. Биирдэ, Дахха аармыйаҕа ыҥырыллан барбыт кыһыныгар, ахсынньы ый ортотун диэки тыһы тыһаҕас эмискэ өлөн хаалбыта. Тыһаҕас өлүгүн хотон үрдүгэр таһааран, хайдах өлбүтүн быһааран аах оҥоруохтарыгар диэри, тоҥорон кэбиспиттэрэ. Хотон үрдүгэр бүтүн тыһаҕас өлүгүн оҕо-дьахтар дэбигис таһаарбат. Күнү быһа кэриэтэ үлэлээн аччарыспыттара. Сүөһү көрөр дьахталлартан саастарынан аҕалара, сэттэ уончалаах Биэрэ эмээхсин сүбэтинэн таһаарбыттара. Сэкэ ону бэркэ өйдүүр. Маҥнай үс модьу сиэрдийэлэри булан, хатырыктарын сулуйбуттара уонна уу кутан тоҥорбуттара. Сиэрдийэлэрин сиртэн хотон үрдүгэр диэри силээгэ уурбуттара. Икки уһун өтүүлэри булан, силээгэлэр үөһээҥҥи төбөлөрүгэр баайан, курдуу тардар курдук оҥорбуттара. Тыһаҕастарын хотонтон быанан соһон ырычаахтаһан силээгэлэригэр аҕалбыттара. Хотон үөһэттэн Сэкэлиин түөрт буолан тардан таһаарбыттара. Мууһурбут силээгэлэр устун чэпчэкитик ньылбырыччы тардыллар эбит этэ. Тыһаҕас өлбүтүн киирэн биллэрбиттэрин кэннэ, уонча хонугунан аахтыы нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Чаабый Бүөтүр суруксутунуун Унньуула Өрүүнэлиин уонна Сэмээр Сэмэн суотчутунуун икки сыарҕа атынан тиийэн кэлбиттэрэ. Сылаастаан баран: — Тыһаҕаскыт өлүгүн көрдөрүҥ эрэ, тыыппатыгыт ини, — диэн Чаабый дьаһалымсыйда. Чаабый Бүөтүр Москва аннынааҕы иэдээннээх киирсиигэ бааһыран, хаҥас бүлгүнүн хомурҕана суох дойдутун булбута. Кинини оройуонтан быһа сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Чаабый кыра уҥуохтаах, хаҥас бүлгүнүн салгыны хайытардыы, иннин диэки тутан хааман хаттахачыйар, кэлбит-барбыт, ууллаҕас сыа уостан түһэрин өрүскэлэһэн тылынан сылбырытардыы, сэлибирэс саҥалаах, кыраны хоҥоруутугар хоннорбот, бардам соҕус майгылаах киһи. — Ыт тыытыа диэн хотон үөһэ таһааран уурбуппут, — Биэрэ эмээхсин ыйан биэрэ тахсардыы таҥнан барда. — Тоҥу көрөн тугу быһаарыахпыт үһү. Аатыгар тахсан көрүөххэ, — Сэмээр дойдутун дьонун-сэргэтин үчүгэйдик билэр, туох да албына-көлдьүнэ суох, көнөтүнэн сылдьар дьон. Итэҕэйбэккэ ирдэһэллэр диэх курдук санаата быһыылаах, кэри-куру тутунна. Дүлүҥҥэ олук охсон оҥоһуллубут кирилиэһинэн ыттан тахсан бары көрдүлэр. Кырдьык да, туохтан өлбүтүн быһаарыахтааҕар, борооскутун, тыһаҕаһын, өҥүн да киһи араарыа суох. Кыраһа бүрүйэ түһэн, хаары кытта хаар буолан бөгдөйө сытар. Дьиэҕэ киирэн Чаабый: — Хайдах өлбүтэй? Өрүүнэ, кумааҕыгын ылан, аахта толор, — суруксутун соруйда. Биэрэ эмээхсин наҕыл, имэрийэн эрэр курдук куолаһынан: — Киэһэ аҕылыыр этэ, сарсыарданан өлбүт быһыылааҕа, ситэ бөһүйэ илигэ. — Хайдах өлбүтүн эмээхсин кэпсээбитин курдук суруй. Аҕылаан өллө диэн аах түмүгүн оҥорор сатаммата дуу. Сэмэн, отчуот туталларыгар бэтэринээртэн ыйытан баран ыарыы аатын суруйаар. Аһаҕас хааллар, — Чаабый дьаһайа олордо. — Оройуонтан ыйаах быһыытынан сүөһү өлүгүн тута уоттаныллыахтаах, Сэмэн биһикки тахсан уоттуохпут, хонукпутугар ходьоччу тиийэр инибит, — Чаабый сырыытын, үлэтин кэмин барыллыыр. — Чэ, бэйэлэрэ дьаһайыахтара. Аҕылаан өлөөһүн былыргыттан биллэр ыарыы, киһи кэриэтэ сүөһү да сэбиргэхтэтэр буоллаҕа. Улахан сараасынай ыарыы курдук тутуу былдьастахпытый? Сыппыта ырааппыт өлүк буоллаҕа, — диэн Сэмэн Чаабыйы уҕарытар. Тохтуу түһэн баран Сэмээр кэпсээн барар: — Урут, Чоху баай аҕылаан өлбүт сүөһүтүн этин хамначчыттарыгар биэрэрэ үһү. «Хата, биһиги күөстэнэн абыранарбыт», — диэн Накыс оҕонньор кэпсиирэ. Ити да тыһаҕас ыран көтөхтөрөн өлбөтөх буоллаҕа, — Сэмээр, эһиги да ону толкуйдаарыҥ диирдии, көхсүн этитэн сымарынан кэбистэ. Сэмээр үлэһиттэрэ хоргуйбат эрэ курдук аччык олороллорун билэр уонна аччык дьон эти көрөн туран уоттуурга илиилэрэ күһэллэн барыаҕын эмиэ өйдүүр. Аҕылаан өлбүт тыһаҕаһы, баҕар, санаалара ыллаҕына өллөнүөхтэрэ дии санаан, ити Чоху туһунан аҕынна. — Чэ, оннук да буоллун. Булгу уоттуугут, — Биэрэ эмээхсиҥҥэ туһаайан соруйда. Дьиҥэр, Чаабый үөһэттэн түһэрэн, инчэҕэй эт тоҥмута ирэн умайан бүтэрин курдук маһын булан, кулуһун оттон амбаалыктаһар кырата суох, күннүктээн үлэ. Умайан бүтэрин күүттэххэ кырата икки хонуктаах. Сүөһү көрөөччүлэр дьиэлэрэ кыараҕас, бэйэлэригэр эрэ сөп, таһыттан киирбит түөрт киһи утуйар ороно да, таҥаһа да суох. Онон хамыыһыйа иккиһин сылаастаабакка, ыксалынан төннүбүттэрэ. Ол күн сарсыныттан ыла арыый тоттук олох эргийбитэ. Дьонноро барбыттарын нөҥүө күнүгэр Биэрэ эмээхсин Сэкэ ийэтиниин хотон үрдүгэр тахсан туора эрбиинэн тыһаҕастарын эрбээн, эт ылан киэһэ күөстэммиттэрэ. Сэкэ киэһэ эт сиэн, миин иһэн үөрэ-көтө олорон, оҕолуу ыраастык ылынар кырдьыга үтэйэн буолуо: — Хаарыан эппитин уоттаан кээһииһибит дии, — бэйэтэ-бэйэтигэр саҥа таһааран сонньуйда. Биэрэ эмээхсин оҕо хомолтотун өйдүү охсон: — Сэмэн, бэрэссэдээтэл киһи сиэриҥ диэн көҥүллээбитэ дии. — Сиэриҥ диэбэтэҕэ буолбат дуо, кэлин бэйэҕит уоттаарыҥ диэбитэ дии, — Сэкэ тугу истибитинэн быһааран толкуйдуурун этэр. — Тоойуом, Сэкэ, өйдөөн кэбис. Сэбиэт истэн олордоҕуна бобуллары утаран, сиэриҥ диирэ сатаммат буоллаҕа. Чоху баай үлэһитэ Накыс туһунан кэпсээн таайтаран эппитэ. Санаан көрүүй, бу ас суоҕар итиччэ эти уоттаан кээһиэхпитий? Сиэммэтин уоттуохпут. Сэрии бара турар буолан идэһэ сиир да, көҥүлүнэн өлбүтү да сиир бобуулаах. Дьон кэллэҕинэ эт сиэччибит диэн кэпсээйэҕин. Быраҕыллары да сиир бобуулаах курдук, — диэн баран Биэрэ эмээхсин дириҥник үөһэ тыынан кэбиспитэ. Сэкэ хаһан эмэ туһахтарыттан ылар булдун эбинэн ол кыһын аччыктаабакка кыстаабыттара. Сэкэ үөрэнэ барыан баҕарбат. Киниэхэ бултуу диэн дууһатын манньытар санаанан, ытын Бахсыры илдьэ ойууру кэтэрэ туох да дьарыктан ордук. Куобаҕын хаҥас астыыр остуолга уураат, Сэкэ таһырдьа ойдо, кэнниттэн ийэтэ: — Эмиэ ханна бардыҥ? — дии хаалла. — Чэ, чэ, булан сылдьыа, туох ааттаах ирдэһэн хааллаххыный, — Дахха эр киһилии судургу толкуйа, ийэ оҕотун ыраах ыытарыгар, аттыгар олордон имэрийиэнтоморуйуон, оҕоргуон баҕарарын билбэт. Сэкэ дьиэ иннигэр турар аҕата харыйа хатырыгынан үрүттээн, эркиннэрин ат ыарҕанан үүйэн туппут сайын куйааска уоттанар хоспохторугар киирэн Бахсырын кууһан олорон: — Сарсын Харыйалаахха барабыт, мин үөрэнэ хаалыам. Эн аҕабыныын төннүөххүт. Миигин күүтээр, кыһыҥҥы өрөбүлгэ кэлиэм, — киһилии кэпсэтэр. Ыта, өйдөөбүттүү кутуругун эймэҥнэтэ-эймэҥнэтэ, кулгаахтарын ньылатан, Сэкэҕэ куустаран таалан олорор. Булчут ыт барахсан, тыла эрэ суох, эйэргэһэр, сырсыакалаһан оонньуур кыра иччитин өйдөөбүтэ буолуохтаах. Сэкэ ытын кытта кэпсэтэн баран, уку-суку киирэн утуйар оронугар сытаат, күнүскү сүүрүү-көтүү сылаата таайан, этэ-хаана сылаанньыйан утуйан хаалла. Сарсыарда уһуктубута, таһырдьа самыыр тыаһа сабдыгырыыра иһиллэр. Дьоно чэйдии олорон сибигинэһэн кэриэтэ кэпсэтэллэр. — Бачча ардахха бара сатаама, оҕону тымнытыаҥ. Үөрэх куотуо суоҕа, — диир ийэтин саҥата. Аҕата саҥата суох, иһиллээбиттии олорболоон баран: — Били, туттарыыта баар ээ. Туттарар кэмин хойутаатаҕына, Уйбаныап учуутал тутуо саарбах, — сөҥүдүйэр, олох маһа хаачыгыраата. Сэкэ сэрэйэринэн аҕата үгэһинэн олоҕор сыҕарыҥныы-сыҕарыҥныы сүүһүн имэриммит буолуохтаах. Дахха ити идэтэ, толкуйдаатаҕына, сүүһүн туора-таары сотон имэринэр идэлээх. — Дириэктэргэ киирэн кэпсэтиэҥ буоллаҕа, ардахха баттатан хойутаан уолгун аҕалбыккын кэпсээр, өйдүүллэр ини. Киһибит туттарара саарбах. Көмөлөһүннэриитэ суох билбэтэҕин хантан билэн кэлиэй, — ийэтэ сэрэйэрин этэр. — Чэ, чэ, эрдэттэн мээнэни саҥарыма. Биһиги киһибит оҕолортон итэҕэһэ суох, туттарыа, — аҕата Сэкэни көмүскэһэр. Дахха уолун хаһан да «нокоо», «тоойуом» диэччитэ суох, кэпсэтэригэр «доҕоор», суоҕар «били киһи» диэччи. — Үс хонуктаах ардах кэллэ быһыылаах. Суол алдьанара буолуохтаах. Уһун самыыр кэнниттэн от үрэх бадарааннара аттааҕар буолуох киһи кыайан туораабат обоччолонооччулар. Ардах ааспытын кэннэ барар син сөп буолуо. Мин бүгүн отторум бүппэтэх күрүөлэрин ситэрэн кэлиэм. Ити киһи утуйдун, — диир аҕатын саҥатын истээт, Сэкэ утуйбуттуу нус-бааччы сыппыт бэйэтэ: — Аҕаа, мин барсабын, — диэт, өрүкүнэйэн туран кэллэ. — Хайа, утуйбакка сытар эбиккин дуу? Бу ардахха дьиэҕэр олорон үөрэххин көрө түһүө эбиккин, — ийэтэ аатыгар эрэ этэн көрдө. Сэкэ ону билэр, ийэтэ да, аҕата да кини эппитин, көрдөспүтүн утарсааччылара суох. Дьоно бопсорун да курдук Сэкэ омунуолааҕы баҕатыйбыта суох, барсарын-барсыбатын, бултуу барарын-барбатын туһунан быһаарынарыгар көҥүл биэрээччилэр. — Чэ, барсар буоллаххына түргэнник туран, суунан-тараанан аһаа, ардахха кэтэр таҥаскын бэлэмниэм, — хайа сахха хочуоҥкаттан ийэтин саҥата иһилиннэ. Сэкэ түргэн үлүгэрдик аһыы охсоот, таҥнан хачымахтанна. Ардахха кэтэр таҥаһа, оҕус тириитинэн тигиллибит олооччу, бириһиэн курдук таҥаһынан хаттыктаан ийэтэ тикпит төбөнү сабар саҕатыттан холбуу таҥастаах, тобугар тиийэр уһун сон уонна оннук таҥаһынан тигиллибит ыстаан. Ыстаанын аллараатын олооччутун быатынан бобута баанан, Сэкэ самыырга сытыйбаттыы сананна. Доруобун, манааҕытын сүгэн аҕатын кэнниттэн саппай уопсан сүүрэр, хаамар икки ардынан тэлэкэччийэн иһэр. Дахха уолун көмөтүгэр улаханнык наадыйбат уонна Сэкэ күрүө тутуһаары сайыспатаҕын билэр буолан: — Чэ, доҕоор, мин Булуҥ отун күрүөтүн бүтэриэм, эн Бүөр күөл битии ууларын кэрийэн кэл. Кус бараары да үөрдээтэр ардахха көппөт, от быыһыгар сытар. Күөлү кураанаҕынан эргийэ бараар, Бахсырыҥ ууга киллэртээтэҕинэ ытаар. Иитиигин харыстаар. Арба, хас иитиилээххиний? — Дахха уола хас ботуруоннааҕын, онто хаһа иитиилээҕин ааҕа билэр. Таайдахха, сэбин-сэбиргэлин дьабдьына сырдьарыгар үөрэтэн кэриэтэ ыйыттаҕа. — Биэс иитиим хаалбыта. Барар буолан элбэҕи ииттибэтэҕим, — Сэкэ бөҕөх санаатыгар биэстэ ытыы элбэх, кини биир да ботуруоннаах буоллаҕына кустуу барар, оннук булка тардыһыылаах. — Олус уһаайаҕын, тоҥ күөс быстыҥынан кэлээр. Үкэргэ барыахпыт, — Дахха уолугар болдьоото. Дахха дьэ дьирээ киһи. Ардах сэллээн көрбөккө сабдыгыраччы түһэ турдаҕына, ким кыһайбытыгар, бу кэлэн ардахха сытыйа сырыттаҕа буолуой? Төһө да үөрүйэҕинэн, таҥас бэлэмнээтэр, ийэтэ Сэкэни ардахха аҕатын кытта ыытыан баҕарбатаҕа быһыылааҕа, ону этиэн иннинэ быһа түһэн Дахха: — Барыстын, барыстын. Саахар буолбатах, ууллуо суоҕа, — диэн быһааран кэбистэ. Даххалаах дьиэ кэргэннэригэр туох барыта быһаарыллыыта биир сүнньүнэн барааччы. Аан маҥнай Балбаара бэйэтин толкуйун этэ охсон кэбиһэр идэлээх. Дахха истэн олорон, сүүһүн имэриммэхтээн баран, лоп бааччы быһааран кэбиһээччи. Ардыгар Балбааратын сүбэтин ылынар, арыт отой атыннык этэн таһаарар, ханныгын да иһин сүрүн толорооччу Дахха эппитин курдук оҥоһуллааччы. Балбаара ону билэр, эрэ эппитин кэннэ биир тылы утары саҥарааччыта суох. Дахха уолун аһына саныыра буолуо да, кини толкуйа, эр киһи тымныыга-куйааска, хаарга-самыырга сылдьан, айылҕаны бэйэтин этинэн-хаанынан билиэхтээх, тугу барытын сатыы, дьаһана үөрэниэхтээх диэн. Аар тайҕаны кэтэр булчут киһи дьонтон-сэргэттэн ыраах сылдьан, эрэнэрэ, өрүһүйэрэ бэйэтин мындыр өйө, сатабыла, кыаҕа буоларын билэр. Уолун кыратыттан айылҕаны кытта алтыһыннаран улаатыннарар булгуруйбат соруктаах. Дахха кэбиһиилээх отун таһыгар эрдэ маһын бэлэмнээбитэ, онон күрүөнү өр гыммата. Уолун болдьообут кэмин иннинэ үлэтин бүтэрэн, ордубут маһынан күрүөтүн муннугар адарайдыы ууран, кээһиилэх отун тэллэҕэр мукуйа аспыт харбааһын отун ууран самыыртан хорҕойор үрүт оҥордо. Уолун күүтэ таарыйа, саппыйатыттан мохуорка табаҕыттан кымаахтаан ылан, сааһылыы дьаптайбыт хаһыатыттан хайытан эриннэ, силинэн силимнээтэ, бүтүгэһин айаҕын иһигэр уктан, тылынан салбаан таһааран, бүк түһэн олорон, ытыстарын холбоон, ол иһигэр уматынна. Испиискэтин харыстыыр, ситэ дэлэйэ илик кэмэ. Уола үстэ тыаһаата. Дахха үс кустанна быһыылаах диэн сэрэйэр, уолун билэр, мээнэ ыппатах буолуохтаах. Дахха үөрэтэрэ оннук. Бэйэтэ чахчы эккэ эрэ ытар киһи. Саа сэбэ кырыымчыгын кытаанах ирдэбилэ оннук кэмэ. Дахха иккис табаҕын эриниэн эрэ иннигэр Бахсыр тиийэн кэллэ. Чочумча буолаат, Сэкэ ньылбы сытыйбытын аахсыбакка, үөрэн-көтөн чоҕулуйан, сүүрүүнэн тиийэн кэллэ. — Түөрдү хааллардым, — тыын ылан баран аҕатыгар отчуоттуур. — Үстэ тыаһаан эрэриҥ дии… — Дахха уола ситэри кэпсииригэр тоҕоос биэрэн ситэри эппэтэ. — Оттон, биирдэ ытан икки моонньоҕону таптым буоллаҕа дии, ону Бахсыр хойомууннаммытын тутта. — Туох айылаах ууга буккулуннуҥ? — аҕата токкоолоһор. — От мэһэйдээн устан киирэллэрэ көстүбэт буолан, от быыһынан ууга киирдэхпинэ көрөбүн буоллаҕа дии, — Сэкэ быһаарар. — Дьиэлиэххэ, — Дахха уола сынньана түспүтүн кэннэ, сүгэтин кыбынан барарга тэриннэ. — Хайа оттон, Үкэрбитигэр барбаппыт дуо? — Сэкэ этиллибит булгу туолуохтааҕын курдук ылынан ыйытар. — Кэлин барыахпыт. Самыыр сэллиэ суох, сытыйбытыҥ да бэрт, — Дахха уола ууга түспүт кутуйах курдугун көрөн аһынна быһыылаах. Аҕалаах уол, биир сыдьаан хааннаахтар эрээри, тас көрүҥнэринэн туохтара да майгыннаспат, төттөрүтүн ураҕас икки төбөтүн курдук уратылаһаллар, биирдэрэ улахан, кэтит, киппэ, оттон Сэкэ, аҕатыгар холоотоххо, сүрдьүгэс аттыгар лэкэ туруоруллубутун санатар эрээри, туохтара эрэ үкчүлэһэр, биир куттаах-сүрдээх икки айылҕа албаннаах оҕолоро сэргэстэһэ хааман дьиэлээтилэр. Самыыр үс күн сэллээбэккэ, сабдыгыраччы түстэ. Төрдүс күнүн сарсыарда халлаан ардаабытын мэлдьэспиттии, ытыс саҕа да былыта суох, киһи хараҕын ымсыырда угуйан санааны кынаттыыр, курдары көстөр курдук эрээри, эҥсиллэ ыраата дьэҥкэрэр күп-күөҕүнэн көрбүтэ. Имэрийэ тараан ааһар сиккиэр илибирэтэ сиксийиэн иннинэ, от-мас сэбирдэхтэригэр олорон хаалбыт уу таммахтара күн тэһэ көрөр сырдык уотуттан чаҕылыһа сандааран, тулалыыр эргиччини күлүмүрдүү оонньотоллор. Онно көх эпсэн, самыырга дьиппиэрэ сабардаабыт салгын өрүкүйэ чэпчээбиккэ дылыта куту-сүрү өрүкүтэр. Дахха бүгүн айаҥҥа турбакка быһаарынан олорор. Уһун самыыр кэнниттэн ыҥыыр атынан ойуур быыһынан сылдьар мастар силбиктэрин тэбээн, киһи ордук сытыйар. Силбик түспүтүн, сир хотооллоругар халыйбыт уу барара барбытын кэннэ сарсыардэ эрдэ туран икки атынан Харыйалаахтыыр санаалаах. Сэккэ утуйа сыттаҕына, эмиэ сайыһан барсыа диэн, Балбааратыныын тыл бырахсан кэпсэппэккэ чэйдии охсон, сып-сап хомунан Үкэригэр отун күрүөтүн тута барда. Сэкэ уһуктан, саҥата суох сытар. Дьиэ иһэ уу чуумпу. Ийэтэ бокуой булан, таах олорбутун көрбүтүн өйдөөбөт. Сэрэйдэҕинэ, билигин даҕаны, таһырдьа тугу эрэ гына сырыттаҕа, аҕата оттообут отторун бүтүгэс күрүөтүн тута Үкэр сыһыытыгар барбыт буолуохтаах. Балбаара тиэргэнтэн киирэн хос аанын торҕо сабыытын сэгэтэн көрдө уонна уола уһуктан сытарын билэн, киирэн Сэкэ күн уота сиэн бороҥнуйа кугастыйбыт, өрө тура сылдьар хоччоххой баттаҕын имэрийдэ, сүүһүттэн сыллаан ылла. Ийэтин сыллыырыгар Сэкэ ис-иһиттэн сылаанньыйан, этэ-хаана сылыйан, налыйан таалан хаалла. Күнү көрдөрбүт ийэ барахсан таарыйара да куту-сүрү угуттуур алыптаах күүстээх. Балбаара оҕолоругар ымманыйа сылдьыбат, хаһан эмэ имэрийэн, сыллаан ылар, соҥурах дьахтар. Кини бэйэтэ аҕа-ийэ тапталын буолуохтааҕар, имэрийиллибитин-томоруйуллубутун, сыллаабыттарын өйдөөбөт. Эрэ Дахха кууһа, сыллыы сылдьыбат киһи. Улаханнык саҥарбыта да суох. Балбаара этэрин сөбүлээбэтэҕинэ, көхсүн этитэн иҥиэттэн кэбиһээччи. Эйэргээтэҕинэ, ис-иһиттэн сырдаан мичээрэн имэрийэ көрөөччү. Онон хаһан да этиһэн, саҥарсан ар-бур дэспэт ыаллар. Балбаара эрин мас курдук эрэнэр дурда-хахха киһитэ. Төрөппүттэрэ эдэрдэригэр, кини түөртээҕэр сылы кыайбатынан быысаһан суох буолбуттара. Аҕата Халахай Арамаан тыаҕа мас кэрдэ сылдьан, дэҥҥэ, маска тэптэрэн өлбүтэ. Ийэтэ ол күһүнүгэр муус оттуу сылдьан ууга түһэн, сыыстаран, икки өттүнэн сэбиргэхтэтэн кыһыныгар кыыһын төгүрүк тулаайах хаалларбыта. Балбаараны аҕатын эдьиийэ Сүөкүччэ, аҥаардас дьахтар, иитэн киһи-хара гыммыта. Сүөкүччэ атаахтаппакка, атаҕастаабакка, ыал оҕолорун тэҥинэн аһатан-таҥыннаран ииппитэ. Түөрт кылаас кэнниттэн, бэйэтиттэн тэйитэн, Харыйалаахха салҕыы үөрэттэрэ ыыппатаҕа. Ол эрээри, Балбаара тобуллаҕас өйдөөх, чобуо, ис-тас үлэлэргэ барытыгар сыстаҕас, сатабыллаах үлэһит дьахтар. Сэкэ туран, үгэһинэн, ыксалынан сууммута буолаат, түргэн үлүгэрдик остуолга бэлэмнэнэн турар арыылаах лэппиэскэтин хабыалаата. Аҕата ханна баарын, тугу гына сылдьарын билэр, бүгүн аҕатыгар барбат, сааламмат, былаана атын. «Бэйэтин сиригэр» сылдьар санаалаах. Сэкэ «Бэйэтин сирэ» диэн быыс буллаҕына баран оонньуур диэххэ дуу, сынньанар дуу, дуоһуйар сирдээх. Дьиэтиттэн олус ырааҕа суох. Алар бэс чагдаҕа силбэһэр быыһыгар кытыан уктаах ырааһыйа баар. Онно, ырааһыйа алар өттүгэр аарыма хатыҥ лаглайа үүммүт, бэс чагда диэки кырдьаҕас, сүүнэ бэс турар. Сэкэ оонньуур сирин бэйэтэ билэринэн тэринэн оҥостубута. Хатыҥын уонна бэһин анныларыгар от үргээн аҕалан сытар олбох оҥостор. Арыт, бэһин анныгар атахтарын олуйа тэбэн, эбэтэр оллоон кэбиһэн, кэтэх тардынан, күөх халлааны одуулаан, иттэннэри дьоһумсуйан сытан, ыырын иһинэн арааһы толкуйдааччы, ыраланааччы. Ардыгар, ити курдук хатыҥын анныгар сытааччы. Ханна сытарын эрдэттэн быһаарынааччыта суох, ырааһыйатыгар кэллэҕинэ, бэйэтэ да билбэтинэн, таайдахха, кутун-сүрүн туруга ирдэбилэ сытар сирин талларааччы. Бүгүн бэһин анныгар сытта. Үгэс курдук, Сэкэ сытарыгар сыттаах оттору үргээн аҕалан сыттыктанааччы. Күһүн буолан, үчүгэй сыттаах оттор иинэн-хатан сыттык үргэммэтэ. Сэкэ ып-ыраас халлааҥҥа, үрдүккэ тэлээрэ сылдьар элиэни одуулуур. Кини ити элиэ курдук кэрийэ көтө сылдьан, сири-дойдуну үөһэттэн көрүөн баҕарар. Бэһим, хатыҥым үөһэттэн хайдах көстөрө буолуой, элиэ миигин көрөрө буолуо дуо диэн толкуйдуур. Онтон, элиэ хайдах сапсыммакка салгыҥҥа уйдара сылдьарын дьиктиргиир, кустар сапсыннахтарына салгынтан кынаттарынан тирэнэн көтөллөрүн өйдүүр, туох барыта үөһэ бырахтахха төттөрү сиргэ түһэллэр, оттон элиэ тоҕо кынатынан дайбаммакка, быраҕар эпчиргэ мас курдук сиргэ түспэккэ, тааҕы тэлээриҥниирин быһаара сатыыр. Салҕыы Сэкэ толкуйа ыраатта. Харыйалааҕа, оскуолата, учууталлара, бииргэ үөрэнэр оҕолоро бу баардыы көстөн кэллилэр. Санаа-толкуй киэҥ далайыгар эргичийэ айаннаан күнүскү чэй кэмэ кэлбитин өйдөөбөккө хаалла. Өссө да сытыах киһини ыта Бахсыр тылын туора түһэрэн, сэкэйэн кэлэн, кутуругун куймаҥната-куймаҥната нылахачыйа эккэлээн, үлэлэрин бүтэрэн дьиэлэригэр кэлбиттэрин биллэрдэ. Бахсыр улахан иччитин кытта хантан эрэ дьиэтигэр кэллэҕинэ Сэкэ суох буоллаҕына, көрдүү барааччы. Дьонноро ону билэн ыҥыра сатааччылара суох. Сэкэ ойон тураат, ытын имэрийэ-имэрийэ кууспахалаан ылла, ытыныын сырсыалаһардыы дьиэлэрин диэки түһүнэн кэбистилэр. Дьиэтин тэлгэһэтигэр киириэн инниттэн алаадьы сытын ылла. Сэкэ сып-сылаас алаадьыны ууллубут арыыга уймуу-уймуу сиирин туохтан да ордорор. Ийэтэ ону билэр. Саха үгэстэрин тутуһар буолан эбитэ дуу, Даххалаах күндү аһылыктара ууллубут арыылаах алаадьы. Балбаара бэлиэ күннэргэ мэлдьи алаадьылааччы. Төһө да мэлии бурдук кырыымчыгын иһин кини хаһаастаах буолар. Алаадьы сыта Сэкэҕэ биир быһылаанын санатта. Сэкэ Кыайыы ыһыаҕар алаадьы сиэбитин умнубат. Дьон-сэргэ түмсэн олорор түөлбэлэригэр кыайыыны уруйдаан-айхаллаан ыһыах тэрийэргэ оройуон кииниттэн быһаарыы ыыппыттар этэ. Харыйалаахха хомуллан Кыайыы ыһыаҕын ыһаары тэрийбиттэрэ. Балбааралаах ол ыһыахха барар кыахтара суоҕа. Бас-көс киһилэрэ Биэрэ эмээхсин көҕүлээһининэн, бэйэлэрэ Хараанайга Кыайыыны малааһынныырга быһаарыммыттара. Ыаҕайаҕа кымыс көөнньөрө туруорбута. Саас от тиэйээччилэр көлүнэ сылдьар биэлэрин уулаах, оҕото биллэр буолбут, оттоох сиргэ сынньатан аһатыҥ диэн хаалларбыттара. Көлүллэн сычааһыран Биэрэ эмээхсиҥҥэ ыырыгар ынах курдук туран биэрэрэ. Сэкэ өйдүүрүнэн биэтин үүтүн ыат, тууйаска кутан таһырдьа күн көрөр сиригэр ыйыыра, үс-хас хоннорон баран ыаҕайаҕа кутара уонна күүскэ ытыйан баран сөрүүн сиргэ туруорара. Ытыгын бэйэтэ оҥорбута. Хайдах ытык оҥоһулларын Сэкэ болҕойон көрбүтэ. Биэрэ эмээхсинтэн хаста да, быһахтан сэрэн, олус чугас олорума диэн сэрэтиэр диэри кыҥастаспыта. Өлбүт тыһаҕастарын муоһуттан быһаҕынан быһан, төбөтүнэн үүттээн, чыыппаан тыырар хардаҕастан хайытан, ук бөкүнүччү кыһан күнүскү чэйтэн киэһэ бүтэрбитэ. Сэкэ Бахсырыныын мурукулаан кэлбитэ, ийэтэ суорунаҕа тардыллыбыт ньэчимиэн бурдугунан алаадьы оҥорбут этэ. Аччыктаан кэлэн тотуор диэри суорат, лэппиэскэ мотуйбута. Устунан малааһыҥҥа олорсубута. Улуу Кыайыы бүччүм малааһынын тиэргэн күөх оттоох сиригэр остуолларын таһааран тэрийбиттэрэ. Туох баар астарын үөрүү-көтүү сандалытыгар уурбуттара. Малааһыны саҕалыахтарын иннинэ Биэрэ эмээхсин, аа-дьуо олох маһыттан туран кэлбитэ уонна наҕыл куолаһынан, биирдии тылын чиҥэтэн эппитэ: — Саха дьонугар ыарахан күннэр-дьыллар кэлэн аастылар. Сэрии кыырыгын түүннэри-күннэри үлэлээн, аас-туор олоххо тоҥон-хааһан эппитинэн-хааммытынан биллибит. Ол кыра. Үгүс эдэр-чэгиэн дьоммут сэрии хонуутугар тыыннара быһыннаҕа. Ол истэригэр биһиги көмүс чыычаахтарбыт Сэргэйдээх Дэниис хаһан да төрүт буордарыгар төннүбэттии хааллылар. Ити тыллары этэригэр Балбаара, тугу эрэ ситэ остуолга ууруллубатаҕын аҕалардыы, туран дьиэҕэ киирэн хаалбыта. Сэкэ ийэтэ уолаттарын санаатаҕына атын сиргэ хайыһарын уонна тугунан эрэ сылтаҕыран баран хааларын билэр. Сэкэ бэйэтэ убайдара суох буолбуттарын, аны кинини кытта хаһан да дьээбэлэһэн оонньоһуо суохтарын өйдүүр курдук эрээри, киирэн кэлиэхтэрин кэтэһэр курдук. Өлүү оҥорор өһүн оҕолуу кута-сүрэ ситэ билбэт. Балбаара туран барбытыгар Биэрэ эмээхсин саҥата суох турбахтаан баран: — Сэрииттэн тыыннаах ордон дойдуларын булбуттар эдэр бэйэлэрин сэймэктэтэн кэллилэр. Сорохтор өссө да саа тутан дойдуну көмүскүү сылдьаллар. Кинилэр кэлиэхтэрэ. Күүтэбит. Аны хаһан да уоттаах сэрии буолбатар ханнык. Саха омук чуумпу олоҕун аймаабаттарын туһугар, биһигини айылҕа оҕолорун кэрэһэлээ диэн Айыы Тойон таҥараттан көрдөстөҕүм буоллун! — уонна төбөтүн хоҥкус гыннаран үс төгүл «дом» диэтэ. Остуолу тула хаама сылдьан, кымыстаах ыаҕайатыттан, остуол таһын диэки хайыһыннаран күөх окко күдээриччи хомуйа ыспыта. Онтон, сылгы хаппыт сааҕынан түптэҕэ тиийэн, эгэлгэтэ иһиллибэттик киҥинэйэн саҥара-саҥара, түптэ тула түөрт өттүгэр кымыһыттан үөһэ сандаарыччы ыспыта, бэһис хамыйаҕын түптэ ортотугар куппута. Остуолга олорооччулар иһиттэригэр кутаттаабыта. — Кытыт биэ кыынньа оонньуур кымыһын илин диэки хайыһан, хаан уруу дьоннорбут куттара-сүрдэрэ көҥүлгэ көтөрүн туһугар, биһиэхэ тыыннаахтарга уйгу-быйаҥ утумнаһарын туһугар иһиэхпит буоллун, — Биэрэ эмээхсин бэйэтэ остуолтан тэйиччи, илин диэки хайыһан, көбүс-көнөтүк туттан, халлаан диэки хантайан, ыаҕайалаах кымыһын иннигэр уунан турбахтаан баран, тобус-толору иһити дьалкытан тоҕон кэбиһиэм диэбиттии, көрөргө дьиктитик ыаҕайалаах илиилэрин көтөҕөн, аа-дьуо, дьоһуннаахтык уостарын сэрэнэн сэгэтэн кымыһыттан испитэ. Бары олохторуттан тахсан, Биэрэ эмээхсини үтүктэн кымыстарын испиттэрэ. Балбаара тахса охсон, Сэкэтиниин сэргэ туран кымыһын испитэ уонна төбөтүттэн имэрийэн ылбыта. Ол кэнниттэн аһылык саҕаламмыта. Сэкэ остуолга олорон, ахтыбычча алаадьыны тот иһигэр эбии мотуйбута. Аһаан бүтэллэригэр иһэ мээчик курдук буолбута. Аны утатан сойон турар оргуйбут ууну ыйырбахтаан киллиргэппитэ да, утаҕа хаммакка, тамаҕа хатан, хаста да төхтүрүйбүтэ. Лэппиэскэтэ, алаадьыта ууга дарбайан буолуо, иһэ барабаан курдук дыҕаччы үллүбүтэ. Олорор да, турар да, сытар да кыах биэрбэт курдук тыына кылгаабыта, уһуутуу-уһуутуу хайдах буолуон билбэккэ тэпсэҥнии сылдьарын Биэрэ эмээхсин көрөн: — Хайа туох буоллуҥ, тоойуом? — диэн ыйыппыта. — Иһим дыыгыначчы үллэн хаалла, кыайан тыыммаппын, — Сэкэ ырбаахытын арынан көрдөрбүтэ. Биэрэ эмээхсин иһин тутан көрөн баран, сэрэйбитэ быһыылааҕа: — Итинник буолааччы. Оннооҕор, ампаарга күрүөһүлээн киирэн бурдугу сиэн ынахтар харыннара хайдан өлбүт түбэлтэлэрэ баар. Алаадьыны элбэҕи сиэбитиҥ буолуо. Ньэчимиэн бурдуктан алаадьыны элбэҕи сиэтэххэ утатыннарар идэлээх. Ууну истэххэ дарбайан, куртаҕы багдатан тыынары мэһэйдэтэр. Дьаарбай, ааһыа. Оол өттүккэ бытааннык хааман, баран кэл, арыый буолуоҥ, — диэн сүбэлиир курдук соруйбута. Сэкэ ыанар биэлэрэ турар сириттэн эргиллэн кэлэригэр тыынара арыый чэпчээбиккэ дылыта. Өссө баран кэлбитэ, арыый аматыйбыта. Онтон ыла, аһы да өйдөөн аһаныллыахтаах диэн домоҕу этинэн-хаанынан билбитэ. Даххалаах саха мааныга астанар алаадьылаах киэһээҥҥилэрин элбэх саҥата-иҥэтэ суох аһаатылар. Остуолга кэпсэтиини үгэс курдук Балбаара иилиир-саҕалыыр идэлээх. Дахха үксүн элбэхтик саҥарбат. Ардыгар кэпсээн баран тохтообот идэлээх. Ол Сэкэҕэ сыһыаннаах буолааччы. Бу киэһэ Балбаара саҥата-иҥэтэ суох, кэри-куру туттар. Соҕотох тутан хаалбыт оҕотугар ийэ сүрэҕэ олус чугас. Ону кута-сүрэ эймэнитэн ыытыан баҕарбат, оттон киһи килбиэннээҕэ буола улаатарыгар өй-санаа көҥүллүүр. Балбаара икки иэйии тардыалаһар ухханыгар ылларан бэйэтигэр кистэннэ. Иһитин хомуйан бүтэн, нам-нум буолаат, Сэкэтин түөһүгэр ыга тардан турда уонна: — Чэ, киирэн утуйан хаал. Сарсын эрдэ туран ыраата барыаххыт, — төбөтүттэн имэрийдэ. Сэкэ ийэтигэр куустаран, тулалыыр эйгэтин умнан, сып-сылаас эт өйүнэн ситэ өйдөммөт дьикти күүскэ абылатан таалан турда. Ийэтэ саҥарбытыгар өйдөнөн кыбыста тутунна. Санаатыгар, бачча улахан уол ийэтигэр ачаалыы турар курдук. Түргэнник сыгынньахтана охсон суорҕанын иһигэр дьылыс гынан хаалла.