Главная / Кэпсээннэр / Үөр буолбут ийэ
Добавить комментарий
Оҕо сылдьан ол-бу араас иччи, сибиэн, абааһы туһунан кэпсээннэртэн куттамматах киһи суоҕа буолуо. Сир түннүгэ таайбыттан, ыххайан кэриэтэ итинник түбэлтэлэри кэпсэтэн сордооччубун. Биирдэ манныгы кэпсээбитэ. Оччолорго уончалаах уолчаан төрөппүттэрин, убайын кытары тэйиччи тыаҕа отоннуу барбыттар. Киэһэлик, урукку үүтээни булан, оһохторун оттон, сирдэрин-уоттарын аһатан, сылайбыт дьон сиэринэн, утуйардыы сыппыттар. Түүн үөһүгэр таайым хабаҕыран, таһырдьа көҕүрэттэ тахсыбыт. Дьыалатын оҥорон баран, үүтээҥҥэ киирэн иһэн, кэннигэр киһи сөтөллөрүн истибит. Өр толкуйдуу барбакка, үүтээҥҥэ сүүрэн киирэн, түргэн үлүгэрдик ааны хатаат, аҕатын хоонньугар дьылыс гынан хаалбыт. Аҕата ити кэмҥэ уһуктаҕас буолан, киһи сөтөллөрүн эмиэ истибит. Дьэ уонна бүтүннүү кулгаах буолан баран, иһиллээн сыппыттар. Били күтүрдэрэ үүтээни тула эргийэ сылдьан баран, тугу-эрэ ботугуруу-ботугуруу хаста да ааны тардыалаан баран, иһийэн хаалбыт. Сарсыарда тураат, саҥата-иҥэтэ суох хомунан дьиэлээбиттэр. Дойдуларын булан дьэ уоскуйбуттар. Ити түбэлтэ умнуллубутун кэннэ, аҕалара булчуттарга кэпсээбит. Ону биир кырдьаҕас булчут манныгы сэһэргээбит. Урут, ааспыт үйэлэргэ, биир бириэмэҕэ Саха сиригэр араҥ ыарыыта тура сылдьыбыт. Бу дойдуну эмиэ тумнубатах. Биир икки оҕолоох эдэр ыал ыалдьыбыттар. Ол иһин бу ыалы, дьонтон ыраах арааран, түҥ тыаҕа көһөрбүттэр. Ыаллар син олорбуттар да, ыарыы ыар тыына дьыалатын оҥорбут. Бастаан аҕалара быстыбыт, онтон уон биэстээх уоллара өлбүт. Ийэлэрэ барахсан уончалаах уолун кытары иккиэйэҕин хаалбыттар. Астара-үөллэрэ бүтэн барар, бүтүннүү баас, ымынах буолбут дьон ханна ыраатыахтарай, устунан бэргээн бараллар. Дьахтар маннык эрэйдэнэн өлөртөн саллан барар, киһилии да көмүллүө суохпут диэн хараастар буолбут. Ол иһин түүн уола утуйа сыттаҕына, быһаҕынан сүрэххэ анньан, өлөрөн кэбиһэр. Бэйэтэ балаҕаҥҥа киирэн быаланан өлбүт. Кэлин аймахтара, син дьон буоллахтара дии, санаалара буолбакка, сыл курдугунан бара сылдьан кистээбиттэр уонна балаҕаны уоттаан кэбиспиттэр. Сыл-хонук ааспытын кэннэ, бу бултаах-алтаах, балыктаах дойдуга, ол балаҕан чугаһыгар булчуттар үүтээн туттубуттар. Булчуттар «биирдэ эмэ ытаабыт-соҥообут дьахтар биллэн ааһааччы» диэн кэпсэтэллэр эбит. Бу сырыыга эмиэ кинилэр курдук икки уол оҕолоох ыал отоннуу кэлбиттэрин сэҥээрбитэ буолуо диэн сылыктыыллар. Онтон ыла ити сиргэ сылдьа иликпин диэн таайым кэпсээнин түмүктээбитэ.