Главная / Кэпсээннэр / ИЧЧИЛЭЭХ СИР
Добавить комментарий
Эрдэттэн кэпсэтииннэн сопхуос киин уһаайбатыгар түөрт нуучча уокка оттор мас эрбии кэлбиттэр. Ааспыт үйэ сэттэ уонус, аҕыс уонус сылларыгар туох баар тэрилтэлэр, хараастар, хотоннор хочуоллара, ыаллар кыстык мастара, үлүгэрдээх маһы сииллэрэ. Онон кыһыҥҥы аам - даам тымныыларга оттук мас кэрдэр, тиэйэр уустуктардаах кэмнэрэ этэ. Уонунан сылларга чугас эргиннээҕи тыа кэрдиллэн, чордонон бүппүтэ. Арай дэриэбинэттэн биэс - алта биэрэстэлээх сиргэ " Оҕонньор тумуһаҕа "- диэн кэтит соҕус уһун тумуһах үөскэ дылы үтэн, ордон турбута. Маһа кырдьык да бөдөҥ, хойуу, үрдүк сис курдук көстөрө. Аата ааттаммат оҕонньор сытар диэннэр, олохтоохтор сэрэнэн - сэрбэнэн чугаһаабат сирдэрэ. Тумуһаҕы быһа түһэр сылгы, ынах эрэ ыллыга баара. Бу тумуһахтан көлүйэлэр уҥуордарыгар сопхуос саҋылык пиэрмэтэ мэндээрийэн көстөрө. Сайынын онно киһи - сүөһү элбиирэ. Атыыр оҕус айаатыыра, оҕо - аймах саҥата чугдаарара. Киэһээҥҥи чуумпуга түптэ буруота унаара устара. Бу сайылыкка Маарыйа диэн эмээхсин сайыннары - кыһыннары олороро. Сахаалыы туохтаах эрэ диэн сэмээр кэпсэтэр буолаллара .кыһыҥҥы өттүгэр от, мас тиэйэр тыраахтырдар, кини дьиэтин аттынан ааһар буоланнар, туохха наадыҋарын аҕалан биэрэр этилэр.