Главная / Кэпсээннэр / Аптаах тыл абылаҥа - Иван Гоголев
Добавить комментарий
Хотугу сулус журнал 1979 с. Мин оҕо сааһым маҥнайгы өйдөбүлүн хаһан да умнубаппын: сибэккилээх хонуу… Мин ийэбэр көтөхтөрөн турабын, ийэм сымнаҕас, сылаас түөһүгэр ыга сыстабын, Ийэм кимиэхэ эрэ сапсыйар, мин эмиэ сапсыйабын, Үрдүбүтүнэн улахан баҕайы көтөрдөр үс муннуктуу кэккэлии көтөн ааһан иһэллэр. Қынаттарын тэнчтэн э элиэтниллэр. Қынаттара тоҕо эрэ кыһыл хаймыылаах… Халлаан киэҥ да киэҥ, күөх да күөх, үрдүк да үрдүк!… Кэнники билбитим ити мин эдэр учуутал аҕабын мин эдэркээн ийэм барахсан Якутскайга математиктар курстарыгар сайын атаараары Халбаакы нэһилиэгэр «Чайдаах» диэн күөл кытыытыгар мингин көтөҕөн турбут эбит, Билигин да оҕо сааһым ити маҥнайгы өйдөбүлэ мин харахпар тыыннаахтыы көстөн кэлэр. Үрдүк да үрдүк халлаан… Қынаттара кыһыл хаймыылаах дьнкти көтөрдөр… Мин харахпар кынаттара тоҕо итинник буолан көстүбүтүн бэйэм да муодаргыыбын. Бука, күн уотугар тэтэрэн көһүннэхтэрэ буолуо… Ити өйдөбүл мин оҕо сүрэхпэр дириҥник интититтэн эбитэ дуу, түүн аайы түһээн көтөр идэлэммитим. Үрдүккэ көтөр үөрүүбүттэн сүрэҕим минньигэс баҕайытык дьырылыыра… Оҕо сааһым иккис өйдөбүлэ… Ханнык эрэ дьнэ эркинигэр күн уота тыкпыт. Мин үөмэн баран кинини тута сатыыбын. Күн уота эйэҕэстик халбарыйан биэрэр, Мин хайаап да кинини бобо харбыыр санаалаахпын, күн уота туттарыан букатын баҕарбат, куруук халгы харбатар. Мин өчөһөн сылайыахпар диэри кинини эккирэтэбин. Тиһэҕэр, сылайан, абарап ытыыбын. Бинрдэ өйдөммүтүм мин тула дьоннорум тураллар. Мин туохтан ытаабыппын ким эрэ кинилэргэ көрүдьүөстүк кэпснир, Арааһа, көрөн турбуттар. Бары көрүльүөстүк күлсэллэр. Тоҕо күлсэллэрин мин төрүт өйдөөбөппүн, мин улаханнык хомойон ытыы олоробун эбээт, оттон кинилэр аһыныахтарын кэриэтэ күлсэллэр!… Мин абаран өссө улаханнык ытыыбын, Дьонум өссө эбии күлсэллэр… Арай ийэм миигин ыга кууһар, иэдэспиттэн сыллыыр, эйэҕэстик уоскутар… Билигин да күн уота эркиҥҥэ тэйбитин көрдөхпүнэ, курустук сонньуйабын. Олоҕум устата халты харбатар күн уотун тута сатыыр аналлаах буоллаҕым… Оҕо сааһым үһүс өйдөбүлэ… Мингин ханнык эрэ уп-уһун атахтаах кыргыттар күлүү гыналлар. Бары мин усһум чорбоҕоруттан иҥнэллэр. Өһүргэнэн мин уоспун өссө чорбоччу туттабын. Ол аайы кыргыттарым миигин хаадьылыыллара өссө бэргиир, мин уоспун сөмүйэлэрин уһугунан таарыйаллар: «Чорбоҕор уос! Чорбоҕор yос!> дииллэр. Мин кинилэргэ хардаран, туох эрэ кыһыылааҕы этиэхпин баҕарабын. Эмискэ мичик гынаат, чаҕаара түһэбин: «Қумаар атах кыргыттар, кумаар атах кыргыттар! Чооһуус!» Қыргыттар, сирэй сирэйдэрин көрсөөт, эмиэ күлсэн тоҕо бараллар. Ийэм эрэйдээх, миигин туохтан барытыттан араҥаччылааччы таҥарам, чэпчэкитик хааман кэлэн эмиэ ыгыта кууспахтыыр, сып-сылаастык сыллыыр, көтөҕөр уонна түөһүн иһиттэн тахсар кэрэ куолаһынан этэр: «Обом чорбоҕор уоһуттан иҥнимэҥ… Бу чорбоҕор уое, баҕар, кэлин тугу эмэни булан этиэ…» Ийэм, ийэккэм, маамам!… Олус да кэрэ, олус да чэбэр, олус да амарах киһи этин! Мин эйигин олус да таптыыр этим, эн миигин эмнэ олус да таптыыр быһыылааҕыҥ!… Мин олоҕум эн амарах, сылаас, истин тапталгыттан саҕаламмыта, олоҕум устата эн т тапталын, эн алгыһыҥ мингин арыаллаабыта, эн миигин бар-дьону, аан дойдуну амарахтык таптыырга үөрэппитиҥ. Бу иһин эйиэхэ муҥура суох махтанабын. Эн тиһэх түүҥҥэр мин бэйэм эйигин ыарыылаабытым, эн уҥуох-тирии буолбут бэйэҕин кууһан олорбутум, мип илиибэр эн тэбэрэ тохтуура чугаһаабыт сүрэҕиҥ бүллүгүрүүрэ, ити сүрэх аан дойду саамай амарах, саамай ыраас сүрэхтэриттэн биирдэстэрэ этэ эбээт! Мин көрөн олордохпуна эн тыыммат буолбутуҥ… Хараҕыҥ симириктээн барбыта… Эн хараҕыҥ кими да кынчарыйбытын өйдөөбөппүн, тугу барытын имэрийэ көрөрө… Мин эйигин суорҕанынан бүрүйбүтүм. Ол түгэн ынырык да этэ!… Балыыһа кыараҕас хоһугар эп иниигэр соҕотоҕун сөһүргэстээн туран ытаабытым, өр ытаабытым… Эйигин мин бэйэм балыыһаттан котоҕон таһаарбытым. Оо, ыарахан да этиҥ!… Ийэ буорга үйэлээх сааска кистиэхпит иннииэ эн иннигэр им-дьимник сүгүрүйбүтүм, эн тымныйбыт иэдэскин, сүүскүн уураан-сыллаан ылбытым… Ийэккээм, мин сүрэхпэр эн өрүү тыыннааххып, Эн миэхэ бэлэхтээбитиҥ күндүттэн күндүнү олоҕу, кэрэттэн кэрэни - поэзняны! «Дьоһун», «кытаанах» дьоннор, баҕар, сүөргүлүү саныахтара: «Ийэ атаах уола эбит…» мин ийэм уола этим, онон киэн туттабын, Ийэм туһунан элбэх хоһооннору суруйбутум. «Ийэтин туһунан суруйара элбэҕэ бэрт…> - диэн сорохтор, «дириҥ өйдөөх» дьоннор сөбүлээбэттэр этэ. Ийэттэн ордук күндү күн сиригэр ким баарый? Ийэ… Ийэ буор… Ийэ сир… Ийэ халлаан… Ийэ тыл… Күн ийэ… Бары күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни ийэбитигэр тэҥниибит. Ити мээнэҕэ буолбатах. Дууһабыт бары намчы-нарын, сылаас, а амарах иэйиилэрэ ийэ тапталыттан интиллэр быһыылаахтар. Ийэтин таптаабат, ийэ тапталын билбэтэх киһи чараас тириилэннэ, амарах сүрэхтэниэ дуо? Биһиги киһини таптыыр, киһиэхэ сүгүрүйэр олохпутугар чараас тирии, амарах сүрэх, уйан дууһа кимнэхэ барытыгар наадалар. Оттон поэкка, бастатан туран наадалара туох да мэлдьэҕэ суох, Оо, ийэм барахсан туһунан өссө да истинтэн истин айымньылары айдарбыан!… Ити мин ытык иэһим. Биһиги улуу ийэбит-төрөөбүт айылҕабыт. Мин ийэ айылҕам эйгэтигэр улааппытым. Қини дьэрэкээн оһуорун- дьарҕаатын, ааҕан ситиллибэт араас көстүүлэрин ийэм үүтүн кытта эппэр-хааммар иҥэриммитим. Билигин да ийэ айылҕабыттан тэйэ иликпиттэн үөрэбин. Сааскы, сайыҥҥы үрүҥ түүннэргэ, күһүҥҥү чэбдии ыйдаҥаларга уум кэлбэт, соҕотоҕун ыраах хаама барабын. Сөп- сөрүүн үрүҥ түүннэргэ айылҕа күнүскү түбүгүттэн уоскуйар, тугу эрэ дириҥи, улаҕалааҕы чуумпутук толкуйдуур, эйигин эмиэ олох туһунан толкуйдуурга ынырар… Ыраас ыйдаҥа түүннэргэ айылҕа бу аа аан дойду сүдү кистэлэҥин сибилигин аҕай сүрэҕинэн таайбыт кэриэтэ сирэйдиин, дууһалыын сырдыыр, эн эмнэ ити киппэ кистэлэҥи сүрэххинэн таайа сатыыгын… Күн тахсыыта… Күн киириитэ… Бу аптаах айылҕа улуу симфониялара! Бу ытык түгэҥҥэ кыыһар саҕаҕы одуулаан туран хайдах долгуйуоҥ суоҕай, өйгү- пэп, сүрэххинэн туохха эрэ үрдүккэ, кэрэҕэ хайдах талаһыаҥ суоҕай!… Мин кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар төрөөбүтүм, ол эрээри оҕо сааһым куоракка буолбатах, кини эгэлгэ айылҕалаах тыаларыгар ааспыта. Оҕо сааһым ааспыт өтөҕө 1 Чочуга «Быттый» диэн муода ааттаах көлүйэ сыырын үрдүгэр синньигэс кырдалга баар. Сарайа суох, үс хостоох «нууччалыы» б балаҕан дьнэ тыа саҕатыгар турара. Эбэм сылгы көҕүллэҕиттэн саахыматтыы аттаран тикпит сөрүө тэллэхтэрэ дьиэбит муостатын бүтүннүү бүрүйэллэрэ. Мин онно элбэхтик тиэйэ, төкүнүйэ оонньоотоҕум буолуо. Тэлгэһэбит мас соппулуот бүтэйдээх этэ. Самнайбыт ампаарбыт долбууругар мин уус төрүттэрим оҥорбут кытыйалара, чороонноро кэккэлэһэн туралларын өйдүүбүн. Қипилэр искусство дьикти айымньылара буолалларын оччотооҕуга мин хантан өйдүөм баарай? Ол эрээрн кинилэр оһуордара-дьарҕаалара мин харахнын тоҕо эрэ үөрдэллэрэ, кинилэр оһуордарын сөмүйэбинэн сэрэнэн таарыйарым, муодаргыы одуулуурум. Ол оһуордар инчэҕэй буордаах ыллыкка томуйах, кулун, ынах туйахтарын суолларын санаталлара, эбэм хатар эриэн кыл ситиитин эмиэ өйдөтөллөрө… Дьиэбит аттыгар көлүйэ кытыытыгар үрдүк кырдалга мин хос эбэм уҥуоҕа баара. Бэрт судургу оҥоһуулаах мас уҥуох. Миигиттэн баара-суоҕа биир сыл аҕа эрээри мингиннээҕэр быдан өйдөөх убайбын Коляны кытта ол уҥуохха күн аайы таптаан оонньуурбут. Хос эбэбит Даарыйа эмээхсин ааттаах булчут эмээхсин эбитэ үһү. Тиргэлээн, туһахтаан куһу, мас көтөрүн, куобаҕы сүгэһэр муҥунан аҕалара дииллэр, Мин убайбыныын эмиэ булчуттар буола оонньуурбут. Күнү быһа тоноҕоччуттары, лыахтары, үрүмэччилэри эккирэтэрбит, Кырдалга мэччийэ сылдьар «Саадьаҕай» диэн улахан ынахпыт хонос гынаат биһиги диэки олоотуура уонна ийэлии амарахтык ыҥыранара. Биһиги сүүрэн тиийэн киниэхэ төбөбүтүн төҥкөгөн биэрэрбит, таптыыр ынахпыт хатыылаах тылынан биһиги төбөбүтүн, иэдэспитин салыыра, ол төлөбүрүгэр биһиги кини хоҥоруутун, моонньун имэрийэрбит, гарбыырбыт. Ынахпыт биһиги диэки олус да өйдөөхтүк, олус да амарахтык, олус да сылаастык көрүтэлинрэ. Ол ынах санньыар, чуумпу, өйдөөх харахтарын хаһан да умнубаппын… Баҕар, итинтэн төрүөттэтэн бачча сааспар диэри сүөһүнү, кыылы, көтөрү-сүүрэри барыларын хаан урууларым курдук саныырым буолуо… Балаҕаммыт иннигэр бурдук ыһар бэрт дьоҕус сонуоктаах этибит, Сонуокпут кытыытыгар дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон үүнэллэрэ. Кинилэр буспут кэмнэрэ биһиэхэ олус үөрүүлээх кэминэн буолаллара. Сонуокпутугар ыспыт бурдукпут күһүн саһара буһуута туохтааҕар да ордук үөрүүлээх буолара. Дьиэбит иннигэр лаглайбыт хойуу лабаалаах муода тинт үүнэн турара. Саас күөх от бытыгырыыта эбэм биһигини, кыра сиэннэрин батыһыннаран тахсан, ол тиикхэ салама ыйыыра. Уоһун иһигэр ботугураан алгыы-алгыы тоҥонохтоммут туос ыаҕайатыттан арыылаах үүтү хамыйаҕынан баһа-баһа тула ыһыахтыыра, «Түөрэх олоор!» диэт хамыйаҕын үөһэ быраҕара. Қиһи сөҕүөн хамыйахпыт куруук олоро түһэрэ. Түөрэхпит олорон, кэскилбитин оҥостуммут дьон быһыытынан, үөрэн-көтөн, бөҕөхтүк сананан дьиэбитигэр төннөрбүт… Билигии да ойуур иһигэр дьаарбайа сылдьан ол лаглайбыт хойуу лабаалаах муода тнити өйдөөн кэлэбин, киннэхэ майгылыыр тиити көрдөхпүнэ өр сүтүктээбит доҕорбун көрбүт курдук сүрэҕим сылаанньыйар, Мастар эмиэ киһи доҕоро буолуохтарын сөп эбит. Эбэм Огдооччуйа эмээхсин, олус үтүө майгылаах, наһаа ыалдьытымсах, аһыныгас, айыы далбар эмээхсин этэ, Кини киирбит ыалдьыты хайаан да күндүлүүрэ-маанылыыра. ырааҕынан эҥсэн наҕыллык, истигник кэпсэтэрэ, ыалдьытын хайаан да кэһинлээн ыытара. Ол иһин биһиэхэ ыалдьыт үгүстүк сылдьара. Араас да сэбэрэлээх, араас да быһыылаах-майгылаах дьон ыалдьыттыыллара. Кинилэр сэһэниэрин мин чуумпуран олорон истэрим, Ону көрө-көрө: «Наhаа да көссүе оҕо» -диэн сорохтор хайгыыллара. Эбэм мингин амарахтык одууласпахтыыра уонна: «Мантын наһаа сытыы бэдик, сэһэн эрэ истэригэр көссүөтэ киирэр»,- диэт мичээрдиирэ. Мин ону бигэргэтэрдии, сэһэннэрин бүтүүтэ тилир гынан хааларым. Оҕо сылдьан көрбүт дьонум сэбэрэлэрэ, кинилэр тыллара-өстөрө, сэһэннэрэ мин өйбөр, сүрэхпэр эмиэ дириҥник сөҥөн хаалбыттар. Эбэм хаһан эрэ олорон ааспыт ураты дьоннор тустарынан олус үчүгэйдик кэпснирэ, кинилэр хайдах туттубуттарын, хайдах саҥарбыттарын үтүктэрэ. Қиэһэ оһох иниигэр галах олоппоско олорон, тымтык тыыра-тыыра остуоруйалыыра, таабырынныыра. Эбэм остуоруйаларын истэ охсоору мин киэһэ буоларын күүтэрим. Азн дойду дьиктиттэн дьиктитэ, күүс- гээхтэн күүстээҕэ, аптаахтан аптааҕа тыл буоларын, ийэ тыл буоларын мин биэстээх-алталаах уолчаан өйдүүр кыаҕым, биллэн турар, суох этэ, арай оҕо сүрэҕим ийэ тылбар курдаттыы таттаран барбыта. Эбэбиттэн истибит остуоруйабын ийэбэр остуоруйалыы сатыырым. Хайаан да бэйэбиттэн тугу эрэ эбэрим… Эбэм остуоруйаларын, таабырыннарын, өһүн хоһооннорун оҕо сылдьан истибэтэҕим буоллар, суруйааччы быһыытынан, арааһа, элбэҕи сүүйтэриэм этэ. «Научнай-техническэй революция тиргиитээбит кэмигэр кураанах дойҕох остуоруйалар туохха наадалаахтарый?» диэн сорох «технократ» дьоннор куолу- луулларын истэн аһарааччыбын. Истэ-истэ курустук сонньуйабын Оҕо саастарыгар остуоруйаны истибэтэх, кинини таптаабатах дьоннор дьоло суох дьоннор, Қинилэри аһынабын, Биһиги сүрэхпит, дууһабыт куурбатын-хаппатын туһугар, өйбүт-санаабыт алмаас таас курдук эгэлгэ уотунан оонньуурун туһугар остуоруйа иаада, Киһи өйө остуоруйа кынаттаах атын айбыт буолан, кэлин ракетаны айдаҕа. Остуоруйа мингин оскуолаҕа да кинрбитим кэннэ батыһа сылдьыбыта. Иккис кылаастан төрдүс кылааска диэри миигин биир учуутал цьахтар үөрэппитэ. Кини бэйэтэ остуоруйалары таптыыра оччотоз эбитэ дуу, эбэтэр атын төрүөттэн эбитэ дуу, биһигини саха тылын уруогар наар остуоруйалатан тахсара. Ханнык эрэ саҥа остуоруйаны иҥнибэккэ-толлубакка үчүгэйдик кэпсээбит оҕоҕо «туйгун» сыананы гуруорара. «Туйгун» сыананы ылаары бары куоталаһа-куоталаһа остуоруйалыырбыт. Мин атыттартан хаалсыбат этим. Аны санаатахпына, тылым-өһүм сайдарыгар ол миэхэ улаханнык туһалаабыт эбит. Мин дьолбор, ол кэмҥэ «Нуучча остуоруйалара» уонна «Саха остуоруйалара» диэн кинигэлэри Саха сиринээҕи издательство бэчээттээн таһаарбыта. Ол кинигэлэри мин хас да төгүл аахпытым. Бырааттыы Гриммнэр остуоруйалара сахалыы тылбалстанан тахсыыта миэхэ эмиэ күндү бэлэх этэ. Ол остуоруйалары мин эбэбэр ааҕан биэрэрим. Эбэм ол төлөбүрүгэр саҥа остуоруйаны остуоруйалыыра, былыргы үһүйээннэри кэпсиирэ. Эһэм мас ууһа уонна тимир ууһа этэ. Аҕата Күөкэс улахан уус киһи эбит. Биэс уола кинини удьуордаан барылара уус буолбуттар. Қүөкэс уус уолун Бүлүү куоратыгар батыһыннаран киирэн таҥара дьиэтин, атыыһыттар элбэх дьиэлэрин туппута үһү. Бүлүү куорат элбэх кырдьаҕас дьиэлэрэ мин эһэлэрим туппут дьиэлэрэ буолуохтаахтар. Эһэм архах сөтөллөөх уонна дьүлэй этэ. Кинини олус аһынарым уонна таптыырым. Эһэм миигин эмиэ бары сиэннэриттэн оодороро. Тәбөбүн имэрийэ- имэрийэ: «Эрэйдээҕи-муҥнааҕы таптыырыҥ иһин таҥара эйиэхэ хаһән эрэ махтаныа», - диэхтиирэ. Чахчы, мин наһaa аһыныгас этим. Аһынар этим эрэйдээҕи-кыһалҕалааҕы барытын: кыната тостубут куһу, иччитин сүтэрбит дьэллик ыты, тулаайах оҕону, ыар ыарыы буулаабыт дьоннорун… Улаата охсон кинилэргэ барыларыгар туох э эрэ үтүөнү, үчүгэйи оҥоруохпун баҕарар да этим!… Эһэм, Ньукулай оҕонньор, күнү быһа уһанан тахсара. Эһэм аттыгар олорон кини хайдах уһанарын кэрэхсээн, таптаан одуулаһарым, илии-атах буоларым. Эһэм мастан, тимиртэн арааһы да уһанара, Эһэм болуорбут сүһүөхтэрдээх тарбаҕын абыттан көннөрү мас кылбаччы кыһыллан, сандаарыччы устуруустанан туох эрэ тэрил, мал буолан тахсара, дьоннор дьэбиҥҥэ сиэппит, алдьап пыт саалара саҥатыгар түһэрэ. Эһэм уһанан бүттэҕинэ хараҕа сымныыра, сирэйэ сырдыыра. Уһаммыт малын кэтит ытыһынан имэрийбэхтинрэ, чуумпутук мичээрдинрэ… Бу күн анныгар саамай ыраас үөрүү айар үлэттэн үөрүү баарын мин оҕо сүрэхпинэн сэрэйэр курдугум… Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыан аҕай иннинэ эһэлээх эбэм түөрт уоннуу хонугунан быысаһан утуу-субуу өлбүттэрэ. Қинилэр тустарынан сылаас, истиҥ өйдөбүл мин сүрэхпиттэп хаһан да сүтүө суоҕа. Маннайгы хоһооммун сэттэлээхпэр маҥнайгы кылаасха үөрэнэ сылдьан өйбөр суруйбутум уонна октябреноктар сбордарыгар дорҕоонноохтук ааҕан биэрбитим. Ол хоһоонум тылларын би лигин өйдөөбөппүн, арай маҥнайгы ньургуһун хаар анныттан саҥа быган эрэрин туһунан суруйбуппун чуолкайдык эйдүүбүн. Оптон бэттэх хам-түм кистээн хоһоон суруйарга холонон көрөрүм. Хоһоон суруйар дьаллыкка уон түөртээхпиттэн ыла букатыннаахтык ылларбытым. Хоһооннорбун кимиэхэ да көрдөрбөт этим. Қыбыстарым. Хаайбыттара бэрдин иһин бинр хоһооммун алтыска үөрэнэ сылдьан оскуолатааҕы эркин. хаһыатыгар таһааттарбытым. Мингин кытта бииргэ үөрэнэр Баһылай диэн уол баара. Салс куйуурга нирэн, оскуолатыгар үөрэнэ кэлбэт буолбута. Мин лионер дружинатын председателэ, оскуола туйгун үөрэнээччитэ итини кытта эйэлэһэр кыаҕым суоҕа, онон атаспын Баһылайы аһына-аһына кини туһунан хоһоон суруйарга күһэллибитим. Ол хоһооммун баччааҥҥа диэри өйдүүбүн. Баар биһиги кылааска, Тугун баҕас муодатай, Собо, мунду тойоно Содьоро дьоруо Баһылай.
Дьолуо муустаах ойбоҥҥо Бултуур үһү сураҕа, Мас манкыга, куйуурга Бастыын барбыт, бадаҕа.
Кини халлаан сырдыыта Халын хаарга хасхардыыр, Кини боруор буолуута Балаҕаныгар баадаҥныыр.
Тоҕус солуур собону Тохтообокко мэҥиэстэн Симинэр үһү иһирдьэ Сүрдээх булчут Баһылай.
Хайыай, майгы буоллаҕа, Аһыыр олох миэрэтэ, Ол эрээри дьаабалыҥ Оскуолатын умнубут.
Собо, мунду тойоно Содьоро дьоруо Баһылай Дьолуо муустаах ойбоҥҥо Дьолуҥ суоҕа буолаарай!
Бу хоһооммун кылааһым салайааччыта Федор Митрофанович Бубякин хайҕаабыта. Ону ахта-ахта өргө диэри күлэр буолара, Уон үстээх о оҕо суруйуутугар син хоп курдук, Хоһооммун оскуола үөрэнээччилэрэ үксүлэрэ нойосуус билбиттэрэ, ырыа гынан ыллыыр буолбуттара. Киһи дьиктиргиэх, Баһылай ити хоһоон кэнниттэн үөрэх күнүн көтүппэт буолбута. Миэхэ өстүйбэтэҕэ, хата, болҕамто книнэ буолбутуттан, ырыаҕа кинрбититтэн, соһуччу аатырбытыттан киэн туттар быһымлааҕа… Мин тыа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар «бэйиэт» алтырбытым. «Хор, хоһооннору суруйуохпун сөп эбит ээ!»- диэн испэр сэмээр санаабытым. Уон биирдээхпэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кутаа уота күүдэпчилэммитэ. Биһиги барыбыт олохпут тосту уларыйбыта. Мин кыһалҕата суох оҕо сааһым бүппүтэ. Саас үөрэх бүттэ даҕаны оҕолор колхоз күүстээх үлэтигэр үлэлиирбит, От үлэтин саҕана сарсыарда алта чаас саҕана турар, киэһэ уон чаас саҕана үлэттэн сылайан төннөр кытаанаҕын мин эмиэ ол сылларга билбитим, Бука барыбыт эдэрдиин, кырдьаҕастыын, оҕолуун, оҕонньордуун күн аайы Совинформбюро иһитиннэриитин олус күүтэрбит. Өстөөх кимтэҕинэ хомойорбут, биһиги сэриилэрбит бисхолообут хас дэриэбинэлэрэ, куораттара вйбүтүгэр хатанан хаалара, саамай бастыҥ сонуммут ол буолара, ол дэриэбинэлэри, куораттары бэйэбит босхолоспулпут курдук үөрсэрбит. Мин учуутал аҕам армияҕа ыҥырыллан баран, доруобуйатынан сыыйыллан, Якутскайтан гөннән кэлбитэ. Кини үчүгэй учуутал этэ. Уруогар биир да оҕо мэниктээбэт, бары чуумпурап, умсугуйап кини холку, чуолкай быһаарыытын истэллэрэ. Аҕам дэгиттэр дьоҕурдаах киһи: мас ууһа, фотограф, кинигэ таһын оҥорооччу, портной, чаһыы маастара, саппыкыһыт, хотуурдаах хоһууна, үчүгэй кыдамаһыт, көтөн иһэр куһу күөрэтэн дэҥҥэ сыыһар ытааччы, дьаарай балыксыт, ону-маны уустаан-ураппаан сэһэргээччи, бэртээхэй сэһэнньит, эдэригэр тустуук, бөҕөстөр ахсавннарыгар киирсэр киһи, Қини билэр, сөбүлүүр дьонноругар оҕо курдук аламаҕай, элэккэй, сөбүлээбэт киһитигэр, тонкуруун, хадаар тыллаах. Ситэтэ суох орто оскуолаларга элбэх сылларга директордаабыта, завучтаабыта. Учууталлыырын таһынан элбэх общественнай үлэни ыытара, сайын колхозка үлэлиирэ. Төрөппүт оҕолорун биһигини үлэни кытта үөрэҕи бииргэ дьүөрэлииргэ нинпитэ. Ханна эрэ ыраах бардаҕына хайаан да кинигэ кэһиилээх кэлэрэ. Мин төрөөбүт күммэр хайаан да кинигэ бэлэхтиирэ. Бэйэтэ түбүгүн быыһыгар кинигэ ааҕара, ол дьаллыгар убайбын уонна миигин эмиэ уһуйбута, Қини биһигини бинрдэ да таһыйбатаҕа, улаханнык мөхпөтөҕө. Сэрии сылларыгар мин хоһоон суруйарым «бэргээбитэ». Қыһыл Армия хорсун саллааттарын уруйдаан-айхаллаан, кырыыстаах фашистары үөҕэн, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга андаҕайан уп-уһун поэмалары суруйтуурум. Ол «айымньыларбын» кимнэхэ да көрдөр- бөтөхпүттэн билигин бэйэм бэйэбэр улаханнык махтана саныыбын. Сахалыы тахсыбыт кинигэлэри биири да көтүппэккэ умсугуйан ааҕарым, ордук хоһоон кинигэлэрин таптыырым, Сөбүлээбит хоһооммун нойосуус үөрэтэрим. Нууччалыы да, сахалыы да элбэх хоһооннору, поэмалары нойосуус билэр буолбутум. Лермонтов хоһооннорун ча- былхайдык тылбаастаабыттара мингин гөхтөрбүтэ. Ол сылларга «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» диэн Говоров оҕонньор олонхото тусна кинигэнэн бэчээттэммитэ. Ол олонгхону мин эмиэ төһө кыалларынан нойосуус үөрэтэ сатаабытым. Қини мин тылбын-өспүн байыппыта. Төрөөбүт ийэ тылым саха тыла, чахчы, «муора курдук баайын» мин итэҕэйбитим. Николай Островскай «Ыстаал хайдах хатарыллыбыта» диэн аатырбыт романа сахалыы тылбаастанан тахсыыта нууччалыы хото билбут тыа оҕолоругар уһулуччулаах бэлэх этэ. Ити романы мин хас да төгүл а аахпытым, Онтон буттэх Павел Қорчагин төлөннөөх обраһа мин олоҕум арахсыбат аргыһа буолбута. Павел Қорчагиҥҥа тугунан эмэнэн май- гылыахпын күүскэ баҕарарым. Иллэҥ кэммэр хоһоону суруйарым таһынан уруһуйдуур идэлээҕим. Қыыллары, көтөрдөрү ордук таптаан ойуулуурум. Уруһуй уруогар куруук туйгун сыананы ыларым. Хоту Өлөөҥгө үөрэнэ сырыттахпына мингин Ленинградтааҕы художественнай академияҕа ыытаары гыммыттара. Мин тоҕо эрэ буолбата- 5ым… Хоһооннору суруйарынан үлүһүйэн уруһуйдуур идэбин кэлин бырахпытым. Дьарыктаммытым, үөрэммитим буоллар, баҕар, орто художник буолуом эбитэ буолуо… Мин Якутскайга кэлэн 2-с орто оскуола онус кылааһыгар үөрэнэ кинриэхлэр диэри биир да суруйааччыны илэ харахпынан көрбөтөҕүм, I Чочуга бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпына кыһын биһиэхэ саҥа учуутал ананан кэлбитэ. Нуучча тылын уруогар хатыныр, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, сүһүөхтээх суптугур муруннаах, лэҥкэҕэр сүүстээх киһи книрэн кэлбитэ. Дорвооно суох куолаһынан: «Семен Қузьмич Попов диэммин. Эһизхэ нуучча тылын үөрэтиэм», - диэбитэ. уруокка Крылов «Бөрө уонна туруйа» диэн үгэтин ырыппыппыт. «Билигин бу үгэ ис хоһоонун сахалыы тылбаастаан биэриим», диэбитэ учууталбыт уонна кафедра кэтэҕэр олорон хараҕын быһа симпигэ, икки ытыһынан сирэйин саба туттаат үгэни барытын сахалыы тылбаастаан биэрбитэ. Биһиги сөҕө санаабыппыт. Арай:
«Туруйа уп-уһун тумсун Бөрө айаҕар батары биэрдэ…»
диэн тыллары мин соччо сөбүлээбэтэҕим. «Тоҕо« «уп-уһун» буолар? Ити оннугар «чулбугур тумсун» диэбитэ буоллар… «Бөрө айаҕар» диэн олус судургута бэрт, «кытарар бэлэһигэр» диэбитэ буоллар», - диэн испэр учууталбын «редакциялаабытым». Дьоннор эгэлгэ кырааскалаах саха тылып дьадатап саҥаралларыттан оҕочоос да эрдэхпиттэн улаханнык хомойорум, кыра оҕо эрдэхпиттэн эбэм эмээхсин ыраас, дьэҥкэ, баай, уран сахалыы тылыгар үөрэнэн хаалбытым оччото эбитэ дуу?… Саҥа кэлбит учууталбыт хас да бэчээттэммит хоһооннордооҕун, өссө поэмалааҕын биһиги билбиппит. Тыыннаах поэты харахтыы илик эрэйдээхтэр онтон олус соһуйбуппут, сөхпүппүт. Туох эрэ дьиктини көрөрдүү поэт учууталым хас хамсаныытын дынктиргин көрөр буолбутум. Сотору үөрэнээччилэр да, олохтоохтор да кининн бары ытыктыыр буолбуппут, Кини бэчээттэммит айымньылардааҕа онно ордук көмөлөстөҕө, Учуутал баарыгар улаханныын, кыралыын боччумура туттарбыт, туох эрэ өйдөөбү саҥара сатыырбыт. Итн да түбэлтэ норуот бэйэтин суруйааччыларын хайдах курдук ытыктыырын туоһулуур. Семен Кузьмич биһиэхэ икки сыл учууталлаабыта. Мин аҕабын кытта табаарыстаспыта. Биэчэрдэргэ бэйэтин хоһооннорун ааҕара. «Хоройор хортуус» диэн гражданскай сэрии геройун туһунан улахан поэманы суруйарын туһунан мин аҕабар кэпсиирин истэрим. Учительскай хоско түүннэри олорон хоһоон суруйан тахсара. Оскуола иһинэн литературнай куруһуогу тэрийбэтэҕэ хомолтолоох. Оскуолаҕа миэхэ көҕүйэн хоһоон суруйааччылар бааллара. Мин бэйэм суруйар хоһооннорбун киниэхэ көрдер- бөтөҕүм, мин хоһооннору суруйарбын кини билбэт быһыылааҕа, Ол үчүгэй. Баҕар, мөлтөх хоһооннорбун наһаа тыйыстык критикалаан санаабын түһэрэн кэбиһиэ этэ… Ол иһин буолуо, баҕар, эдэр автордар маҥнайгы холонуулары- тар төһөҕө баҕарар сэрэхтээхтик сыһыаннаһабын. Мин 1 Чочуга сэттис кылааска үөрэнэр дьылбар убайым Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитэ. Оҕо эрдэхпититтэн убайбыныын сүрдээх эйэлээх этибит, билигин да доҕордуубут. Мин Убайбын наһаа ахтарым, кини эмиэ биһигини ахтара, өрөбүлүн аайы сатыы куораттан биһиэхэ тахсара, Ханнык эрэ кинигэни, «Хотугу сулус»с саҥа нүөмэрин таһаардаҕына үөрэрим даҕаны! Бүлүү педучилищетын иһинээҕи литературнай куруһуок туһунан убайым киэн туттан кэпснирэ. Онно Афанасий Федоров диэн кэпсээннэри суруйар уол баарын убайбыттан истибитим, Ол уол «Тамалаканский Қох» диэн муода псевдонимнаах эбит этэ. Итинник дьиибэ ааттаах уолу көрүөхпүн баҕарарым. Сэттиһи бүтэрэн баран, мин эмиэ Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. Биирдэ ол күһүн уруоктар бүппүттэрин кэннэ көрүдүөргэ кимниин эрэ кэпсэтэ турбутум. Эркиҥҥэ сыһыарыллыбыт расписание иннигэр чоҕулуччу көрбүт хайдах эрэ кылардыҥы харахтаах, хаппыт- куурбут уол турара, оччотооҕуга хаар- тыскапап бэриллэр хара килиэп лоскуйун өтөр-өтөр ытыран ыла-ыла распи- саниены кыһанан ааҕара, Ким эрэ миэхэ: «Ити Афанасий Федоров», - диэн сипсийбитэ. Хайа сахха кэпсээннэри суруйар уолу ойоҕоһуттан муодаргыы одуулаабытым. Уол ону сөбүлээбэтэҕэ, мин диэки кыыһырбыттыы көрөн ылаат, тахсан барбыта. Сотору литературнай куруһуокка суруйтарбытым. Педучилище иһигэр Егор Сидоров диэн уол аата биллэрэ. «ХаЛаан да улахан суруйааччы тахсар киһитэ», диэн төлкөлүүллэрэ. «Улахан суруйааччы тахсыахтаах» киһитэ Сидоров кырдьык да кыахтаах уол этэ. Кини айылҕаттан баһархайдык биэриллибит талаанын сайыннарбатаҕыттан мин арыт мунчаара саныыбын, доҕорбун Дьөгүөссэни сэмэлиибин. Ким билиэй, киһибит, баҕар, бу сылларга кырдьарын саҕана сирэлийэн тахсыа, баар батарбат эбээт! Дьөгүөр үрүҥ хоһоонунан суруйбут хоһооннорун бэйэтэ ааҕара, истэ-истэ мин не сүрэхпиттэн сө- бөрүм-махтайарым. Қини драманы эмиэ суруйбута, оччоттон ыла киэҥ билиилээҕинэн, элбэҕи аахпытынан аатырара. Афанасий Федоров хоһоону суруйбат этэ. «Айар үлэбин маҥнайгыттан кэпсээнтэн саҕалаабытым» диэн мнэхэ этэрэ, Куруһуокка кини кэпсээннэрин дьүүллэһэрбит. Куруһуокпут салайааччыта А. Қ. Сивцев саха литературатын дириҥник билэр, истиҥник таптыыр киһи этэ. Афанасий Федоров чаҕылхай талаанын тута өйдөөбүтэ уонна күөдьүтэ сатаабыта. Литературнай куруһуокка Афоня армияттан кэлбит Зыков диэн саллаат ахтыытын туһунан суруйбут кэпсээнин ааҕан добдуйа турара харахпар бу баар. Куруһуокка мин «дьүүллэнэр» уочаратым эмиэ кэлбитэ. Қүн тахсыытын туһунан, айылҕа уһуктуутун, аан дейду сырдыктан үөрэн-көтөн, өрөгөйдөөн барарын туһунан кэлсээпинэн суруллубут хоһооммун ааҕан биэрбитим. Ааҕан бүтээппип кытта уу-чуум- пу буолбута. Мин Афоня диэки хараҕым кырыытынан көрөн ылбытым. Кини харахтара чоҕулуйан мичээрдин олорор этэ. Сөбүлээбит быһыылааҕа. Буспут дөлүһүөҥҥэ майгылыыр сирэйдээх, кыараҕас харахтаах кыыс: «Дьэ уус тыллаах оҕо эбит»!- диэн сүөлүргээбиттии дуу, сөхпүттүү дуу саҥа аллайбыта. «Уус тыллаах оҕо» буруйдаах курдук туттан, саҥата суох олорбохтообутум. Биир эр бэрдэ ойон туран эгэлээх- тих ыйыппыта: «Ити «аанньал» диэн тугу ааттыыгын?» Мин туох да диэн хоруйдуохпун булбатаҕым: «Аанньал… Аанньал диэн үчүгэй тыын…» - диэт түннүк диэки көрөн кэбиспитим, Дьоннорум тоҕо эрэ күлсү- бүттэрэ. Уолум иккиһин кимиилээхтик ыйышпыта: «Айымньыгар Лена өрүс туһунан ахтан аһараҕын, Лена өрүһү көр- бүгүн дуо?» Мин эмнэ ыксаабытым: «Көрбөтөҕүм… Ол эрээри көрбүт кур- дукпун…»- диэт үөһэ тыыммытым. Дьонум күлсэн тоҕо барбыттара. Мин иэдэһим итийбитэ, буха, кытаран хааллаҕым буолуо. Куруһуокпут салайааччыта чуумпуралларыгар көрдөспүтэ, хоһооннорбун өссө ааҕарбар мингиттэн көрдөспүтэ. Мин абарбытым бэрт буолан дорҕоонноохтук ааҕан барбытым. Хоһоошорбуп аахтаҕым аайы күлсүү, сэргэхсийии буолан испитэ, «Хоһооннорум мәлтөхтөрө бэрт буолан күлсэн эрдэхтэрэ…» - дия санаабытым уонна синигэр түспүт киһи сиэринэн, харса суох лаҕан субуруппутум:
Құлэр-үөрэр Күммүт көрдө, Этэр-тыынар Кэммит кэллэ.
Эдэр сүрэх Күүскэ тэптэ, Өрө түллээт Чуордук эттэ:
«Қырдьаҕастыын Кылыйыаҕыҥ, Эмээхсинниин Эһиэкэйдиэҕин!»
Ыллам Ылдьаа Ымах гынна: «Оннук, оннук, Оннук!»- диэтэ. Мэтэс Биэрэ Мичик гынна: «Чэйиҥ, чэйиҥ, Чэйиҥ!»- диэтэ.
Аны күһүн туһунан хоһоон:
Аныр көтөр: «Ыраах!» диэт Ыраах сиргэ аттаммыт, Өмүрэх Өкүлүүн өмүрэн «Пахай! Татат!»- дии хаалбыт.
Эмис тыһаҕас эрэйдээх Эймэнийэ маҥырыыр, Идэһэ буолар, эт буолар Иэдээннээх күнүн саныыр.
Мааны Баһылай барахсан Маккыраччы ытаабыт, Маарыйата арахсан Атын уолу булбут.
Күтүөт Сүөдэр көөдөҥнөөн Кыннын аахха барбыт, Суоратыттан көҥөнөн Соппуруон үүрэн таһаарбыт.
**Күрэх мунхата оҕо аймахха улахап бырааһынньык буолара. Муҥха тахсыар диэри килэҥ мууска хатыыскалыырбыт, маанытык таҥныбыт дьахталлар ыраас хаарга атах тэпсэ, илии охсуһа, дьиэ- рэҥкэйдин оонньууллара. Балык кэлэр чинчитин биллэххэ бары сапаабыт көтөҕүллэрэ, көрдөөх, элэктээх тылларынан бырахсарбыт, уус тыллаах, түргэн тутуулаах, оонньуулаах-күлүүлээх онно биллэрэ, үчүгэй дьүһүннээх кыыс онно дьон хараҕар быраҕыллара. Мин бүтэһикпэр «Күрэх муҥхата» диэн хоһооммун аахпытым.
Күрэх муҥхата буолан Күндэлэс күөллэр үөрүстүлэр, Аттаахтардыын, сатыылардыын Куул тутуурдаах сүүрүстүлэр.
Ойбон тэһэн, мууһу көйөн Хатан анньыы чыбыргыыр, Хороопноох кырынаас курдук Маҥан нырыы кылбараҥныыр.
Бөҕүөрэн, атах тэпсэн Түнэ этэрбэс түрдүргүүр, Үлүһүйэн, илии охсуһан Тыс үтүлүк табыргыыр.
Қиэһэлик муҥха тахсан Чардаат тула дьон чуоҕуһар, Ымсыырбыт, күүппүт, үөрбүт Хара харах чоҕулуйар.
Муҥхалаах сөҥөн туран Мөҥөн-этэн түтүөлэнэр, Түргэн илии сүүргэ баһан Түнэтэн күлүҥнэтэр…
Хоһооннорбун сирбэтэхтэрэ. Ийэ дойду уонна партия туһунан элбэхтик уонна күүрээннээхтик суруйарбар ыҥырбыттара. Ити уон биэстээхпэр суруйбут хоһооннорбун соторутааҕыта эргэ кумааҕыларбыттан булан баран интэриэһиргээн аахпытым. Олоҕу үөрэ-көтө, мичээрдин көрүү ити хоһооннорго баарга дылы. Дорҕоонноох тыллар суохтар. «Үрдүттэн уруйдааһынтан-айхал- лааһынтан, хор. оччоҕо да туттунар эбиппин ээ»,- диэн испэр санаабытым. Маннай хоһооннору суруйарбар дор- 5оон кэнники сүһүөхтэрэ дьүөрэлэһиилэрин - рифманы занньа ахсарбат этим, рифманы тутуһарга, кини суолтатын. өйдүүргэ культурам да, техникам да тиийбэт этэ. Үгэһи батыһан, хоһоон инники эрэ дор5оонноро дьүөрэлэһиилэригэр болҕомтобун уурарым. «Рифма саха тылып не айылҕатын кэһэр, ийэ тылбыт ис дууһатыттан тахсар буолбатах, таһыттан сыһыарыы», диэн куолулуурум. Дьиҥэр, рифма саха тылын. кыаҕын байытарын, кини кырааскатын, оһуорун-мандарын элбэтэрин кэлин өйдөөбүтүм… Афоня Федоров, Егор Сидоров уонна мин улам-улам доҕордуу буолбуппут, үһүөн бииргэ хаартыскаҕа түспүппүт, Ол хаартысканы көрдөхпүнэ күндү доҕорбун Афоняны өйдөөн, оргууй үөһэ тыынабын. Қини талаана сэдэхтик төрүүр күүстээх талааннартан биир дьиктилэрэ этэ. Қини кыаҕын снтэ туһаммакка, ситэ сирэлийбэккэ, уһаарыллыбакка өлөн хаалбыта. Педучилище иккис курсугар үөрэнэ сырыттахпына, кыһын аҕабын Өлөөн орто оскуолатыгар завуһунан, убайбын онно учууталынан анаабыттара. Мин кинилэри кытта барсар буолбутум, Қы- лыҥҥы киэһэ бэс ойуур саҕатыгар со- ботоҕун үөрэммит училишем уоттарын одуулаан турбутум. Аҕыйах бириэмэ устатыгар училище миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Мип төрөөбүт литературабын таптаабытым, кипи кимтэн кинпиээҕин, хантан хааннааҕын билээри бэйэм поруо- тум историятып, культуратын хасыһап үөрэтэргэ бигэтик быһаарыммытым. Училище маннайгы курсун бүтэрбит сааспар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии биһиги килбиэннээх кыайыыбытынан түмүктэммитэ. Сэрии сыллара биһигини элбэххэ үөрэппиттэрэ. Төрөөбүт ыырбыт интэриэһинэп эрэ буолбатах, бүтүн Ийэ дойду интэриэһинэн олорорго сэрии сыллара үөрэнииттэрэ. Ол тыйыс, дьиппиэр сыллар муударай үөрэхтэриттэн саамай күндүлэрэ, баҕар, ол буолаарай?… Бүлүүттэн Өлөөҥҥә саҥа дьыл бытарҕан дьыбар түүнүгэр ат сыарҕатыгар олорон аттаммыппыт. Ол курдук сыарҕалаах атынан уонна табанан бэрт өр айаннаан Өлөөнү булбуппут. Аара айаннаан иһэн Сахам сирэ тайалҕаннаах таһаалааҕын, киэҥ хоннохтооҕун илэ харахпынан көрөн итэҕэйбитим. Сахам сирин устун ити мин маҥнайгы уһун айаным этэ. Ыйдаҥа түүннэргэ чоіголох алаастар иччитэх өтөхтөрө лүнкүрэн тураллара, ити өтөхтөргө былыр кимнээх эрэ сүллүүкүн иһиллээтэх- тэрэ буолуо… Ол айаннаан иһэн Сахам сирин кыһыҥҥы айылҕата төһө да тыйыс буоллар ураты кэрэтин билбитим. Сарсыарда кырыарбыт хахыйахтарга хара улардар утуйан олороллоро, маҥан хаарга саһыл, бөрө, куртуйах суоллара дьэрэкээннэнэн сыталлара. Қөмнөбү бүрүммүт аар тииттэр кыһыҥҥы күн тоҥуй уотугар үрүҥ көмүс куйахтаах олоҥхо боотурунуу күлүмүрдүүллэрэ. Маҥан кырынаас суорҕаннаах күөллэр, үрэхтэр, үрүҥ оҕус курдук үллэн көстөр хайалар, аата-ахсаана биллибэт алаастар… Айаммыт суолун устатыгар симиэбийэ дьиэлэргэ, кыараҕас үүтээннэргэ, тимир oһохтоох балааккаларга, тордохторго хонуталаабыппыт, араас дьоннордуун билсибиппит. Өлөөҥҥө олунньу ый тохсус күнүгэр тиийбиппит. Саха сирин хотугу уһуга бэйэтэ уратылаах, туһунан кэрэлээх эбит этэ. Қиэһэ аайы халлааҥҥа дьүкээбил уота суһумнуура, бөһүөлэк кытыытыгар балааккалар, тордохтор чуоҕуһан тураллара, тиэргэннэргэ табалар чуучугурууллара. Мин эбээн оҕолорун кытта табаарыстаспытым, доҕордоспутум. Мин үөрэнэн испит педучилишем программата орто оскуола программатынааҕар төрүт атын буолан алгебраҕа, тригонометрия- ба ыарырҕаппытым. Наумов диэн математикаҕа чаҕылхай дьоҕурдаах уол миэхэ көмөлөспүтэ, онон балтараа ый буолаат ситиспитим. Историяҕа мингин билигин биллиилээх ученай Илья Самойлович Гурвич үөрэппитэ, Кини хоһо музей курдуга, Онно Өлөөн былыргы олохтоохторун туттар маллара, тэриллэрэ элбэх да этилэр. Кини бөдөҥ научнай үлэни суруйарын билэрбит, ытыктыырбыт, туох кыалларынан көмөлөһө сатыырбыт. Саас буолуута Өлөөн олус да тупсар. Суорба таас хайалар иэдэстэрэ книрбэт күн уотугар улуутук килбэчийэр. Хапчаанынан таас үрэхтэр ньирилни, күүгэннирэ усталлар, Кыр таастаах тоҥ буорга эрэйдэнэн үүммүт наҥнаҕар тииттэр таба саҥыйахтаах эбээн дьо- нунуу үмүөрүһэн тураннар, оргууй сээ- дьэлиир курдуктар. Үрдүк туруук таас анныгар Өлөөн өрүс былыргы ох саа кирсинии сыыйыллар, эстээри гыммыт ох саа чаачарыныы нэҕиллэр. Түргэн сүүрүктээх бу былыргы хотугу өрүс кытылыгар тэллэйгэ дуу, сэлээппэ кэппит киһиэхэ дуу майгылыыр туруук таас баара. Мин опно киэһэ аайы таптаан турарым. Мэнэһик хайаларынан кир- биилэнэр саҕаҕы, тугут курдук кылбайар киирбэт күнү, Өлөөн өрүс халааннаабыт үөһүнэн халтарыйан эрэрдин рулаһар ку кураҕаччылары өөр-өр одуулуурум. Уҥуор Үрэн турбутунан тоҥон хаалбыт уу оҕуһунуу сүлүтүйэн көстөрө, Күн киирбэт буолан түүнэ да, күнүһэ да биллибэт этэ. Эдэр ыччаттар түүннэри күүлэйдииллэрэ. Москваттан, Ленинградтаи геологическай экспедициялар партиялара самолетунан быһа көтөн кэлитэлээн барбыттара. Өлөөн бөһүөлэгэ сэргэхсийбитэ. Мин онно тохсус кылааһы бүтэрээт, Якутскайга 2-с орто оскуолаҕа үөрэнэ барар буолбутум. Дьоллоох Дьокуускай куоракка! Саха бөдөҥ суруйааччылара, артистара, художниктара олорор сирдэригэр!… Онно тнийэн хайдах үөрэммитим, аптаах тыл абыланар хайдах ылларан барбытым - туһунан кэпсээн, Ол туһунан кэлин…
Хотугу сулус 2 №-рэ
Хотугу сулус журнал 1979 с. Мин оҕо сааһым маҥнайгы өйдөбүлүн хаһан да умнубаппын: сибэккилээх хонуу… Мин ийэбэр көтөхтөрөн турабын, ийэм сымнаҕас, сылаас түөһүгэр ыга сыстабын, Ийэм кимиэхэ эрэ сапсыйар, мин эмиэ сапсыйабын, Үрдүбүтүнэн улахан баҕайы көтөрдөр үс муннуктуу кэккэлии көтөн ааһан иһэллэр. Қынаттарын тэнчтэн э элиэтниллэр. Қынаттара тоҕо эрэ кыһыл хаймыылаах… Халлаан киэҥ да киэҥ, күөх да күөх, үрдүк да үрдүк!… Кэнники билбитим ити мин эдэр учуутал аҕабын мин эдэркээн ийэм барахсан Якутскайга математиктар курстарыгар сайын атаараары Халбаакы нэһилиэгэр «Чайдаах» диэн күөл кытыытыгар мингин көтөҕөн турбут эбит, Билигин да оҕо сааһым ити маҥнайгы өйдөбүлэ мин харахпар тыыннаахтыы көстөн кэлэр. Үрдүк да үрдүк халлаан… Қынаттара кыһыл хаймыылаах дьнкти көтөрдөр… Мин харахпар кынаттара тоҕо итинник буолан көстүбүтүн бэйэм да муодаргыыбын. Бука, күн уотугар тэтэрэн көһүннэхтэрэ буолуо… Ити өйдөбүл мин оҕо сүрэхпэр дириҥник интититтэн эбитэ дуу, түүн аайы түһээн көтөр идэлэммитим. Үрдүккэ көтөр үөрүүбүттэн сүрэҕим минньигэс баҕайытык дьырылыыра…
Оҕо сааһым иккис өйдөбүлэ… Ханнык эрэ дьнэ эркинигэр күн уота тыкпыт. Мин үөмэн баран кинини тута сатыыбын. Күн уота эйэҕэстик халбарыйан биэрэр, Мин хайаап да кинини бобо харбыыр санаалаахпын, күн уота туттарыан букатын баҕарбат, куруук халгы харбатар. Мин өчөһөн сылайыахпар диэри кинини эккирэтэбин. Тиһэҕэр, сылайан, абарап ытыыбын. Бинрдэ өйдөммүтүм мин тула дьоннорум тураллар. Мин туохтан ытаабыппын ким эрэ кинилэргэ көрүдьүөстүк кэпснир, Арааһа, көрөн турбуттар. Бары көрүльүөстүк күлсэллэр. Тоҕо күлсэллэрин мин төрүт өйдөөбөппүн, мин улаханнык хомойон ытыы олоробун эбээт, оттон кинилэр аһыныахтарын кэриэтэ күлсэллэр!… Мин абаран өссө улаханнык ытыыбын, Дьонум өссө эбии күлсэллэр… Арай ийэм миигин ыга кууһар, иэдэспиттэн сыллыыр, эйэҕэстик уоскутар… Билигин да күн уота эркиҥҥэ тэйбитин көрдөхпүнэ, курустук сонньуйабын. Олоҕум устата халты харбатар күн уотун тута сатыыр аналлаах буоллаҕым…
Оҕо сааһым үһүс өйдөбүлэ… Мингин ханнык эрэ уп-уһун атахтаах кыргыттар күлүү гыналлар. Бары мин усһум чорбоҕоруттан иҥнэллэр. Өһүргэнэн мин уоспун өссө чорбоччу туттабын. Ол аайы кыргыттарым миигин хаадьылыыллара өссө бэргиир, мин уоспун сөмүйэлэрин уһугунан таарыйаллар: «Чорбоҕор уос! Чорбоҕор yос!> дииллэр. Мин кинилэргэ хардаран, туох эрэ кыһыылааҕы этиэхпин баҕарабын. Эмискэ мичик гынаат, чаҕаара түһэбин: «Қумаар атах кыргыттар, кумаар атах кыргыттар! Чооһуус!» Қыргыттар, сирэй сирэйдэрин көрсөөт, эмиэ күлсэн тоҕо бараллар. Ийэм эрэйдээх, миигин туохтан барытыттан араҥаччылааччы таҥарам, чэпчэкитик хааман кэлэн эмиэ ыгыта кууспахтыыр, сып-сылаастык сыллыыр, көтөҕөр уонна түөһүн иһиттэн тахсар кэрэ куолаһынан этэр: «Обом чорбоҕор уоһуттан иҥнимэҥ… Бу чорбоҕор уое, баҕар, кэлин тугу эмэни булан этиэ…»
Ийэм, ийэккэм, маамам!… Олус да кэрэ, олус да чэбэр, олус да амарах киһи этин! Мин эйигин олус да таптыыр этим, эн миигин эмнэ олус да таптыыр быһыылааҕыҥ!… Мин олоҕум эн амарах, сылаас, истин тапталгыттан саҕаламмыта, олоҕум устата эн т тапталын, эн алгыһыҥ мингин арыаллаабыта, эн миигин бар-дьону, аан дойдуну амарахтык таптыырга үөрэппитиҥ. Бу иһин эйиэхэ муҥура суох махтанабын. Эн тиһэх түүҥҥэр мин бэйэм эйигин ыарыылаабытым, эн уҥуох-тирии буолбут бэйэҕин кууһан олорбутум, мип илиибэр эн тэбэрэ тохтуура чугаһаабыт сүрэҕиҥ бүллүгүрүүрэ, ити сүрэх аан дойду саамай амарах, саамай ыраас сүрэхтэриттэн биирдэстэрэ этэ эбээт! Мин көрөн олордохпуна эн тыыммат буолбутуҥ… Хараҕыҥ симириктээн барбыта… Эн хараҕыҥ кими да кынчарыйбытын өйдөөбөппүн, тугу барытын имэрийэ көрөрө… Мин эйигин суорҕанынан бүрүйбүтүм. Ол түгэн ынырык да этэ!… Балыыһа кыараҕас хоһугар эп иниигэр соҕотоҕун сөһүргэстээн туран ытаабытым, өр ытаабытым… Эйигин мин бэйэм балыыһаттан котоҕон таһаарбытым. Оо, ыарахан да этиҥ!… Ийэ буорга үйэлээх сааска кистиэхпит иннииэ эн иннигэр им-дьимник сүгүрүйбүтүм, эн тымныйбыт иэдэскин, сүүскүн уураан-сыллаан ылбытым… Ийэккээм, мин сүрэхпэр эн өрүү тыыннааххып, Эн миэхэ бэлэхтээбитиҥ күндүттэн күндүнү олоҕу, кэрэттэн кэрэни - поэзняны! «Дьоһун», «кытаанах» дьоннор, баҕар, сүөргүлүү саныахтара: «Ийэ атаах уола эбит…» мин ийэм уола этим, онон киэн туттабын, Ийэм туһунан элбэх хоһооннору суруйбутум. «Ийэтин туһунан суруйара элбэҕэ бэрт…> - диэн сорохтор, «дириҥ өйдөөх» дьоннор сөбүлээбэттэр этэ. Ийэттэн ордук күндү күн сиригэр ким баарый? Ийэ… Ийэ буор… Ийэ сир… Ийэ халлаан… Ийэ тыл… Күн ийэ… Бары күндүттэн күндүнү, кэрэттэн кэрэни ийэбитигэр тэҥниибит. Ити мээнэҕэ буолбатах. Дууһабыт бары намчы-нарын, сылаас, а амарах иэйиилэрэ ийэ тапталыттан интиллэр быһыылаахтар. Ийэтин таптаабат, ийэ тапталын билбэтэх киһи чараас тириилэннэ, амарах сүрэхтэниэ дуо? Биһиги киһини таптыыр, киһиэхэ сүгүрүйэр олохпутугар чараас тирии, амарах сүрэх, уйан дууһа кимнэхэ барытыгар наадалар. Оттон поэкка, бастатан туран наадалара туох да мэлдьэҕэ суох, Оо, ийэм барахсан туһунан өссө да истинтэн истин айымньылары айдарбыан!… Ити мин ытык иэһим.
Биһиги улуу ийэбит-төрөөбүт айылҕабыт. Мин ийэ айылҕам эйгэтигэр улааппытым. Қини дьэрэкээн оһуорун- дьарҕаатын, ааҕан ситиллибэт араас көстүүлэрин ийэм үүтүн кытта эппэр-хааммар иҥэриммитим. Билигин да ийэ айылҕабыттан тэйэ иликпиттэн үөрэбин. Сааскы, сайыҥҥы үрүҥ түүннэргэ, күһүҥҥү чэбдии ыйдаҥаларга уум кэлбэт, соҕотоҕун ыраах хаама барабын. Сөп- сөрүүн үрүҥ түүннэргэ айылҕа күнүскү түбүгүттэн уоскуйар, тугу эрэ дириҥи, улаҕалааҕы чуумпутук толкуйдуур, эйигин эмиэ олох туһунан толкуйдуурга ынырар… Ыраас ыйдаҥа түүннэргэ айылҕа бу аа аан дойду сүдү кистэлэҥин сибилигин аҕай сүрэҕинэн таайбыт кэриэтэ сирэйдиин, дууһалыын сырдыыр, эн эмнэ ити киппэ кистэлэҥи сүрэххинэн таайа сатыыгын…
Күн тахсыыта… Күн киириитэ… Бу аптаах айылҕа улуу симфониялара! Бу ытык түгэҥҥэ кыыһар саҕаҕы одуулаан туран хайдах долгуйуоҥ суоҕай, өйгү- пэп, сүрэххинэн туохха эрэ үрдүккэ, кэрэҕэ хайдах талаһыаҥ суоҕай!…
Мин кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар төрөөбүтүм, ол эрээри оҕо сааһым куоракка буолбатах, кини эгэлгэ айылҕалаах тыаларыгар ааспыта. Оҕо сааһым ааспыт өтөҕө 1 Чочуга «Быттый» диэн муода ааттаах көлүйэ сыырын үрдүгэр синньигэс кырдалга баар. Сарайа суох, үс хостоох «нууччалыы» б балаҕан дьнэ тыа саҕатыгар турара. Эбэм сылгы көҕүллэҕиттэн саахыматтыы аттаран тикпит сөрүө тэллэхтэрэ дьиэбит муостатын бүтүннүү бүрүйэллэрэ. Мин онно элбэхтик тиэйэ, төкүнүйэ оонньоотоҕум буолуо. Тэлгэһэбит мас соппулуот бүтэйдээх этэ. Самнайбыт ампаарбыт долбууругар мин уус төрүттэрим оҥорбут кытыйалара, чороонноро кэккэлэһэн туралларын өйдүүбүн. Қипилэр искусство дьикти айымньылара буолалларын оччотооҕуга мин хантан өйдүөм баарай? Ол эрээрн кинилэр оһуордара-дьарҕаалара мин харахнын тоҕо эрэ үөрдэллэрэ, кинилэр оһуордарын сөмүйэбинэн сэрэнэн таарыйарым, муодаргыы одуулуурум. Ол оһуордар инчэҕэй буордаах ыллыкка томуйах, кулун, ынах туйахтарын суолларын санаталлара, эбэм хатар эриэн кыл ситиитин эмиэ өйдөтөллөрө…
Дьиэбит аттыгар көлүйэ кытыытыгар үрдүк кырдалга мин хос эбэм уҥуоҕа баара. Бэрт судургу оҥоһуулаах мас уҥуох. Миигиттэн баара-суоҕа биир сыл аҕа эрээри мингиннээҕэр быдан өйдөөх убайбын Коляны кытта ол уҥуохха күн аайы таптаан оонньуурбут. Хос эбэбит Даарыйа эмээхсин ааттаах булчут эмээхсин эбитэ үһү. Тиргэлээн, туһахтаан куһу, мас көтөрүн, куобаҕы сүгэһэр муҥунан аҕалара дииллэр, Мин убайбыныын эмиэ булчуттар буола оонньуурбут. Күнү быһа тоноҕоччуттары, лыахтары, үрүмэччилэри эккирэтэрбит, Кырдалга мэччийэ сылдьар «Саадьаҕай» диэн улахан ынахпыт хонос гынаат биһиги диэки олоотуура уонна ийэлии амарахтык ыҥыранара. Биһиги сүүрэн тиийэн киниэхэ төбөбүтүн төҥкөгөн биэрэрбит, таптыыр ынахпыт хатыылаах тылынан биһиги төбөбүтүн, иэдэспитин салыыра, ол төлөбүрүгэр биһиги кини хоҥоруутун, моонньун имэрийэрбит, гарбыырбыт. Ынахпыт биһиги диэки олус да өйдөөхтүк, олус да амарахтык, олус да сылаастык көрүтэлинрэ. Ол ынах санньыар, чуумпу, өйдөөх харахтарын хаһан да умнубаппын… Баҕар, итинтэн төрүөттэтэн бачча сааспар диэри сүөһүнү, кыылы, көтөрү-сүүрэри барыларын хаан урууларым курдук саныырым буолуо…
Балаҕаммыт иннигэр бурдук ыһар бэрт дьоҕус сонуоктаах этибит, Сонуокпут кытыытыгар дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон үүнэллэрэ. Кинилэр буспут кэмнэрэ биһиэхэ олус үөрүүлээх кэминэн буолаллара. Сонуокпутугар ыспыт бурдукпут күһүн саһара буһуута туохтааҕар да ордук үөрүүлээх буолара. Дьиэбит иннигэр лаглайбыт хойуу лабаалаах муода тинт үүнэн турара. Саас күөх от бытыгырыыта эбэм биһигини, кыра сиэннэрин батыһыннаран тахсан, ол тиикхэ салама ыйыыра. Уоһун иһигэр ботугураан алгыы-алгыы тоҥонохтоммут туос ыаҕайатыттан арыылаах үүтү хамыйаҕынан баһа-баһа тула ыһыахтыыра, «Түөрэх олоор!» диэт хамыйаҕын үөһэ быраҕара. Қиһи сөҕүөн хамыйахпыт куруук олоро түһэрэ. Түөрэхпит олорон, кэскилбитин оҥостуммут дьон быһыытынан, үөрэн-көтөн, бөҕөхтүк сананан дьиэбитигэр төннөрбүт… Билигии да ойуур иһигэр дьаарбайа сылдьан ол лаглайбыт хойуу лабаалаах муода тнити өйдөөн кэлэбин, киннэхэ майгылыыр тиити көрдөхпүнэ өр сүтүктээбит доҕорбун көрбүт курдук сүрэҕим сылаанньыйар, Мастар эмиэ киһи доҕоро буолуохтарын сөп эбит.
Эбэм Огдооччуйа эмээхсин, олус үтүө майгылаах, наһаа ыалдьытымсах, аһыныгас, айыы далбар эмээхсин этэ, Кини киирбит ыалдьыты хайаан да күндүлүүрэ-маанылыыра. ырааҕынан эҥсэн наҕыллык, истигник кэпсэтэрэ, ыалдьытын хайаан да кэһинлээн ыытара. Ол иһин биһиэхэ ыалдьыт үгүстүк сылдьара. Араас да сэбэрэлээх, араас да быһыылаах-майгылаах дьон ыалдьыттыыллара. Кинилэр сэһэниэрин мин чуумпуран олорон истэрим, Ону көрө-көрө: «Наhаа да көссүе оҕо» -диэн сорохтор хайгыыллара. Эбэм мингин амарахтык одууласпахтыыра уонна: «Мантын наһаа сытыы бэдик, сэһэн эрэ истэригэр көссүөтэ киирэр»,- диэт мичээрдиирэ. Мин ону бигэргэтэрдии, сэһэннэрин бүтүүтэ тилир гынан хааларым.
Оҕо сылдьан көрбүт дьонум сэбэрэлэрэ, кинилэр тыллара-өстөрө, сэһэннэрэ мин өйбөр, сүрэхпэр эмиэ дириҥник сөҥөн хаалбыттар. Эбэм хаһан эрэ олорон ааспыт ураты дьоннор тустарынан олус үчүгэйдик кэпснирэ, кинилэр хайдах туттубуттарын, хайдах саҥарбыттарын үтүктэрэ. Қиэһэ оһох иниигэр галах олоппоско олорон, тымтык тыыра-тыыра остуоруйалыыра, таабырынныыра. Эбэм остуоруйаларын истэ охсоору мин киэһэ буоларын күүтэрим. Азн дойду дьиктиттэн дьиктитэ, күүс- гээхтэн күүстээҕэ, аптаахтан аптааҕа тыл буоларын, ийэ тыл буоларын мин биэстээх-алталаах уолчаан өйдүүр кыаҕым, биллэн турар, суох этэ, арай оҕо сүрэҕим ийэ тылбар курдаттыы таттаран барбыта. Эбэбиттэн истибит остуоруйабын ийэбэр остуоруйалыы сатыырым. Хайаан да бэйэбиттэн тугу эрэ эбэрим… Эбэм остуоруйаларын, таабырыннарын, өһүн хоһооннорун оҕо сылдьан истибэтэҕим буоллар, суруйааччы быһыытынан, арааһа, элбэҕи сүүйтэриэм этэ.
«Научнай-техническэй революция тиргиитээбит кэмигэр кураанах дойҕох остуоруйалар туохха наадалаахтарый?» диэн сорох «технократ» дьоннор куолу- луулларын истэн аһарааччыбын. Истэ-истэ курустук сонньуйабын Оҕо саастарыгар остуоруйаны истибэтэх, кинини таптаабатах дьоннор дьоло суох дьоннор, Қинилэри аһынабын, Биһиги сүрэхпит, дууһабыт куурбатын-хаппатын туһугар, өйбүт-санаабыт алмаас таас курдук эгэлгэ уотунан оонньуурун туһугар остуоруйа иаада, Киһи өйө остуоруйа кынаттаах атын айбыт буолан, кэлин ракетаны айдаҕа. Остуоруйа мингин оскуолаҕа да кинрбитим кэннэ батыһа сылдьыбыта. Иккис кылаастан төрдүс кылааска диэри миигин биир учуутал цьахтар үөрэппитэ. Кини бэйэтэ остуоруйалары таптыыра оччотоз эбитэ дуу, эбэтэр атын төрүөттэн эбитэ дуу, биһигини саха тылын уруогар наар остуоруйалатан тахсара. Ханнык эрэ саҥа остуоруйаны иҥнибэккэ-толлубакка үчүгэйдик кэпсээбит оҕоҕо «туйгун» сыананы гуруорара. «Туйгун» сыананы ылаары бары куоталаһа-куоталаһа остуоруйалыырбыт. Мин атыттартан хаалсыбат этим. Аны санаатахпына, тылым-өһүм сайдарыгар ол миэхэ улаханнык туһалаабыт эбит. Мин дьолбор, ол кэмҥэ «Нуучча остуоруйалара» уонна «Саха остуоруйалара» диэн кинигэлэри Саха сиринээҕи издательство бэчээттээн таһаарбыта. Ол кинигэлэри мин хас да төгүл аахпытым. Бырааттыы Гриммнэр остуоруйалара сахалыы тылбалстанан тахсыыта миэхэ эмиэ күндү бэлэх этэ. Ол остуоруйалары мин эбэбэр ааҕан биэрэрим. Эбэм ол төлөбүрүгэр саҥа остуоруйаны остуоруйалыыра, былыргы үһүйээннэри кэпсиирэ.
Эһэм мас ууһа уонна тимир ууһа этэ. Аҕата Күөкэс улахан уус киһи эбит. Биэс уола кинини удьуордаан барылара уус буолбуттар. Қүөкэс уус уолун Бүлүү куоратыгар батыһыннаран киирэн таҥара дьиэтин, атыыһыттар элбэх дьиэлэрин туппута үһү. Бүлүү куорат элбэх кырдьаҕас дьиэлэрэ мин эһэлэрим туппут дьиэлэрэ буолуохтаахтар.
Эһэм архах сөтөллөөх уонна дьүлэй этэ. Кинини олус аһынарым уонна таптыырым. Эһэм миигин эмиэ бары сиэннэриттэн оодороро. Тәбөбүн имэрийэ- имэрийэ: «Эрэйдээҕи-муҥнааҕы таптыырыҥ иһин таҥара эйиэхэ хаһән эрэ махтаныа», - диэхтиирэ. Чахчы, мин наһaa аһыныгас этим. Аһынар этим эрэйдээҕи-кыһалҕалааҕы барытын: кыната тостубут куһу, иччитин сүтэрбит дьэллик ыты, тулаайах оҕону, ыар ыарыы буулаабыт дьоннорун… Улаата охсон кинилэргэ барыларыгар туох э эрэ үтүөнү, үчүгэйи оҥоруохпун баҕарар да этим!…
Эһэм, Ньукулай оҕонньор, күнү быһа уһанан тахсара. Эһэм аттыгар олорон кини хайдах уһанарын кэрэхсээн, таптаан одуулаһарым, илии-атах буоларым. Эһэм мастан, тимиртэн арааһы да уһанара, Эһэм болуорбут сүһүөхтэрдээх тарбаҕын абыттан көннөрү мас кылбаччы кыһыллан, сандаарыччы устуруустанан туох эрэ тэрил, мал буолан тахсара, дьоннор дьэбиҥҥэ сиэппит, алдьап пыт саалара саҥатыгар түһэрэ. Эһэм уһанан бүттэҕинэ хараҕа сымныыра, сирэйэ сырдыыра. Уһаммыт малын кэтит ытыһынан имэрийбэхтинрэ, чуумпутук мичээрдинрэ… Бу күн анныгар саамай ыраас үөрүү айар үлэттэн үөрүү баарын мин оҕо сүрэхпинэн сэрэйэр курдугум…
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыан аҕай иннинэ эһэлээх эбэм түөрт уоннуу хонугунан быысаһан утуу-субуу өлбүттэрэ. Қинилэр тустарынан сылаас, истиҥ өйдөбүл мин сүрэхпиттэп хаһан да сүтүө суоҕа.
Маннайгы хоһооммун сэттэлээхпэр маҥнайгы кылаасха үөрэнэ сылдьан өйбөр суруйбутум уонна октябреноктар сбордарыгар дорҕоонноохтук ааҕан биэрбитим. Ол хоһоонум тылларын би лигин өйдөөбөппүн, арай маҥнайгы ньургуһун хаар анныттан саҥа быган эрэрин туһунан суруйбуппун чуолкайдык эйдүүбүн. Оптон бэттэх хам-түм кистээн хоһоон суруйарга холонон көрөрүм. Хоһоон суруйар дьаллыкка уон түөртээхпиттэн ыла букатыннаахтык ылларбытым. Хоһооннорбун кимиэхэ да көрдөрбөт этим. Қыбыстарым. Хаайбыттара бэрдин иһин бинр хоһооммун алтыска үөрэнэ сылдьан оскуолатааҕы эркин. хаһыатыгар таһааттарбытым. Мингин кытта бииргэ үөрэнэр Баһылай диэн уол баара. Салс куйуурга нирэн, оскуолатыгар үөрэнэ кэлбэт буолбута. Мин лионер дружинатын председателэ, оскуола туйгун үөрэнээччитэ итини кытта эйэлэһэр кыаҕым суоҕа, онон атаспын Баһылайы аһына-аһына кини туһунан хоһоон суруйарга күһэллибитим. Ол хоһооммун баччааҥҥа диэри өйдүүбүн.
Баар биһиги кылааска,
Тугун баҕас муодатай,
Собо, мунду тойоно
Содьоро дьоруо Баһылай.
Дьолуо муустаах ойбоҥҥо
Бултуур үһү сураҕа,
Мас манкыга, куйуурга
Бастыын барбыт, бадаҕа.
Кини халлаан сырдыыта
Халын хаарга хасхардыыр,
Кини боруор буолуута
Балаҕаныгар баадаҥныыр.
Тоҕус солуур собону
Тохтообокко мэҥиэстэн
Симинэр үһү иһирдьэ
Сүрдээх булчут Баһылай.
Хайыай, майгы буоллаҕа,
Аһыыр олох миэрэтэ,
Ол эрээри дьаабалыҥ
Оскуолатын умнубут.
Собо, мунду тойоно
Содьоро дьоруо Баһылай
Дьолуо муустаах ойбоҥҥо
Дьолуҥ суоҕа буолаарай!
Бу хоһооммун кылааһым салайааччыта Федор Митрофанович Бубякин хайҕаабыта. Ону ахта-ахта өргө диэри күлэр буолара, Уон үстээх о оҕо суруйуутугар син хоп курдук, Хоһооммун оскуола үөрэнээччилэрэ үксүлэрэ нойосуус билбиттэрэ, ырыа гынан ыллыыр буолбуттара. Киһи дьиктиргиэх, Баһылай ити хоһоон кэнниттэн үөрэх күнүн көтүппэт буолбута. Миэхэ өстүйбэтэҕэ, хата, болҕамто книнэ буолбутуттан, ырыаҕа кинрбититтэн, соһуччу аатырбытыттан киэн туттар быһымлааҕа… Мин тыа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар «бэйиэт» алтырбытым. «Хор, хоһооннору суруйуохпун сөп эбит ээ!»- диэн испэр сэмээр санаабытым.
Уон биирдээхпэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кутаа уота күүдэпчилэммитэ. Биһиги барыбыт олохпут тосту уларыйбыта. Мин кыһалҕата суох оҕо сааһым бүппүтэ. Саас үөрэх бүттэ даҕаны оҕолор колхоз күүстээх үлэтигэр үлэлиирбит, От үлэтин саҕана сарсыарда алта чаас саҕана турар, киэһэ уон чаас саҕана үлэттэн сылайан төннөр кытаанаҕын мин эмиэ ол сылларга билбитим, Бука барыбыт эдэрдиин, кырдьаҕастыын, оҕолуун, оҕонньордуун күн аайы Совинформбюро иһитиннэриитин олус күүтэрбит. Өстөөх кимтэҕинэ хомойорбут, биһиги сэриилэрбит бисхолообут хас дэриэбинэлэрэ, куораттара вйбүтүгэр хатанан хаалара, саамай бастыҥ сонуммут ол буолара, ол дэриэбинэлэри, куораттары бэйэбит босхолоспулпут курдук үөрсэрбит. Мин учуутал аҕам армияҕа ыҥырыллан баран, доруобуйатынан сыыйыллан, Якутскайтан гөннән кэлбитэ. Кини үчүгэй учуутал этэ. Уруогар биир да оҕо мэниктээбэт, бары чуумпурап, умсугуйап кини холку, чуолкай быһаарыытын истэллэрэ. Аҕам дэгиттэр дьоҕурдаах киһи: мас ууһа, фотограф, кинигэ таһын оҥорооччу, портной, чаһыы маастара, саппыкыһыт, хотуурдаах хоһууна, үчүгэй кыдамаһыт, көтөн иһэр куһу күөрэтэн дэҥҥэ сыыһар ытааччы, дьаарай балыксыт, ону-маны уустаан-ураппаан сэһэргээччи, бэртээхэй сэһэнньит, эдэригэр тустуук, бөҕөстөр ахсавннарыгар киирсэр киһи, Қини билэр, сөбүлүүр дьонноругар оҕо курдук аламаҕай, элэккэй, сөбүлээбэт киһитигэр, тонкуруун, хадаар тыллаах. Ситэтэ суох орто оскуолаларга элбэх сылларга директордаабыта, завучтаабыта. Учууталлыырын таһынан элбэх общественнай үлэни ыытара, сайын колхозка үлэлиирэ. Төрөппүт оҕолорун биһигини үлэни кытта үөрэҕи бииргэ дьүөрэлииргэ нинпитэ. Ханна эрэ ыраах бардаҕына хайаан да кинигэ кэһиилээх кэлэрэ. Мин төрөөбүт күммэр хайаан да кинигэ бэлэхтиирэ. Бэйэтэ түбүгүн быыһыгар кинигэ ааҕара, ол дьаллыгар убайбын уонна миигин эмиэ уһуйбута, Қини биһигини бинрдэ да таһыйбатаҕа, улаханнык мөхпөтөҕө.
Сэрии сылларыгар мин хоһоон суруйарым «бэргээбитэ». Қыһыл Армия хорсун саллааттарын уруйдаан-айхаллаан, кырыыстаах фашистары үөҕэн, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга андаҕайан уп-уһун поэмалары суруйтуурум. Ол «айымньыларбын» кимнэхэ да көрдөр- бөтөхпүттэн билигин бэйэм бэйэбэр улаханнык махтана саныыбын. Сахалыы тахсыбыт кинигэлэри биири да көтүппэккэ умсугуйан ааҕарым, ордук хоһоон кинигэлэрин таптыырым, Сөбүлээбит хоһооммун нойосуус үөрэтэрим. Нууччалыы да, сахалыы да элбэх хоһооннору, поэмалары нойосуус билэр буолбутум. Лермонтов хоһооннорун ча- былхайдык тылбаастаабыттара мингин гөхтөрбүтэ. Ол сылларга «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө» диэн Говоров оҕонньор олонхото тусна кинигэнэн бэчээттэммитэ. Ол олонгхону мин эмиэ төһө кыалларынан нойосуус үөрэтэ сатаабытым. Қини мин тылбын-өспүн байыппыта. Төрөөбүт ийэ тылым саха тыла, чахчы, «муора курдук баайын» мин итэҕэйбитим.
Николай Островскай «Ыстаал хайдах хатарыллыбыта» диэн аатырбыт романа сахалыы тылбаастанан тахсыыта нууччалыы хото билбут тыа оҕолоругар уһулуччулаах бэлэх этэ. Ити романы мин хас да төгүл а аахпытым, Онтон буттэх Павел Қорчагин төлөннөөх обраһа мин олоҕум арахсыбат аргыһа буолбута. Павел Қорчагиҥҥа тугунан эмэнэн май- гылыахпын күүскэ баҕарарым. Иллэҥ кэммэр хоһоону суруйарым таһынан уруһуйдуур идэлээҕим. Қыыллары, көтөрдөрү ордук таптаан ойуулуурум. Уруһуй уруогар куруук туйгун сыананы ыларым. Хоту Өлөөҥгө үөрэнэ сырыттахпына мингин Ленинградтааҕы художественнай академияҕа ыытаары гыммыттара. Мин тоҕо эрэ буолбата- 5ым… Хоһооннору суруйарынан үлүһүйэн уруһуйдуур идэбин кэлин бырахпытым. Дьарыктаммытым, үөрэммитим буоллар, баҕар, орто художник буолуом эбитэ буолуо… Мин Якутскайга кэлэн 2-с орто оскуола онус кылааһыгар үөрэнэ кинриэхлэр диэри биир да суруйааччыны илэ харахпынан көрбөтөҕүм,
I Чочуга бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпына кыһын биһиэхэ саҥа учуутал ананан кэлбитэ. Нуучча тылын уруогар хатыныр, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, сүһүөхтээх суптугур муруннаах, лэҥкэҕэр сүүстээх киһи книрэн кэлбитэ. Дорвооно суох куолаһынан: «Семен Қузьмич Попов диэммин. Эһизхэ нуучча тылын үөрэтиэм», - диэбитэ. уруокка Крылов «Бөрө уонна туруйа» диэн үгэтин ырыппыппыт.
«Билигин бу үгэ ис хоһоонун сахалыы тылбаастаан биэриим», диэбитэ учууталбыт уонна кафедра кэтэҕэр олорон хараҕын быһа симпигэ, икки ытыһынан сирэйин саба туттаат үгэни барытын сахалыы тылбаастаан биэрбитэ. Биһиги сөҕө санаабыппыт. Арай:
«Туруйа уп-уһун тумсун
Бөрө айаҕар батары биэрдэ…»
диэн тыллары мин соччо сөбүлээбэтэҕим. «Тоҕо« «уп-уһун» буолар? Ити оннугар «чулбугур тумсун» диэбитэ буоллар… «Бөрө айаҕар» диэн олус судургута бэрт, «кытарар бэлэһигэр» диэбитэ буоллар», - диэн испэр учууталбын «редакциялаабытым». Дьоннор эгэлгэ кырааскалаах саха тылып дьадатап саҥаралларыттан оҕочоос да эрдэхпиттэн улаханнык хомойорум, кыра оҕо эрдэхпиттэн эбэм эмээхсин ыраас, дьэҥкэ, баай, уран сахалыы тылыгар үөрэнэн хаалбытым оччото эбитэ дуу?…
Саҥа кэлбит учууталбыт хас да бэчээттэммит хоһооннордооҕун, өссө поэмалааҕын биһиги билбиппит. Тыыннаах поэты харахтыы илик эрэйдээхтэр онтон олус соһуйбуппут, сөхпүппүт. Туох эрэ дьиктини көрөрдүү поэт учууталым хас хамсаныытын дынктиргин көрөр буолбутум. Сотору үөрэнээччилэр да, олохтоохтор да кининн бары ытыктыыр буолбуппут, Кини бэчээттэммит айымньылардааҕа онно ордук көмөлөстөҕө, Учуутал баарыгар улаханныын, кыралыын боччумура туттарбыт, туох эрэ өйдөөбү саҥара сатыырбыт. Итн да түбэлтэ норуот бэйэтин суруйааччыларын хайдах курдук ытыктыырын туоһулуур.
Семен Кузьмич биһиэхэ икки сыл учууталлаабыта. Мин аҕабын кытта табаарыстаспыта. Биэчэрдэргэ бэйэтин хоһооннорун ааҕара. «Хоройор хортуус» диэн гражданскай сэрии геройун туһунан улахан поэманы суруйарын туһунан мин аҕабар кэпсиирин истэрим. Учительскай хоско түүннэри олорон хоһоон суруйан тахсара. Оскуола иһинэн литературнай куруһуогу тэрийбэтэҕэ хомолтолоох. Оскуолаҕа миэхэ көҕүйэн хоһоон суруйааччылар бааллара. Мин бэйэм суруйар хоһооннорбун киниэхэ көрдер- бөтөҕүм, мин хоһооннору суруйарбын кини билбэт быһыылааҕа, Ол үчүгэй. Баҕар, мөлтөх хоһооннорбун наһаа тыйыстык критикалаан санаабын түһэрэн кэбиһиэ этэ… Ол иһин буолуо, баҕар, эдэр автордар маҥнайгы холонуулары- тар төһөҕө баҕарар сэрэхтээхтик сыһыаннаһабын.
Мин 1 Чочуга сэттис кылааска үөрэнэр дьылбар убайым Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбитэ. Оҕо эрдэхпититтэн убайбыныын сүрдээх эйэлээх этибит, билигин да доҕордуубут. Мин Убайбын наһаа ахтарым, кини эмиэ биһигини ахтара, өрөбүлүн аайы сатыы куораттан биһиэхэ тахсара, Ханнык эрэ кинигэни, «Хотугу сулус»с саҥа нүөмэрин таһаардаҕына үөрэрим даҕаны! Бүлүү педучилищетын иһинээҕи литературнай куруһуок туһунан убайым киэн туттан кэпснирэ. Онно Афанасий Федоров диэн кэпсээннэри суруйар уол баарын убайбыттан истибитим, Ол уол «Тамалаканский Қох» диэн муода псевдонимнаах эбит этэ. Итинник дьиибэ ааттаах уолу көрүөхпүн баҕарарым. Сэттиһи бүтэрэн баран, мин эмиэ Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. Биирдэ ол күһүн уруоктар бүппүттэрин кэннэ көрүдүөргэ кимниин эрэ кэпсэтэ турбутум. Эркиҥҥэ сыһыарыллыбыт расписание иннигэр чоҕулуччу көрбүт хайдах эрэ кылардыҥы харахтаах, хаппыт- куурбут уол турара, оччотооҕуга хаар- тыскапап бэриллэр хара килиэп лоскуйун өтөр-өтөр ытыран ыла-ыла распи- саниены кыһанан ааҕара, Ким эрэ миэхэ: «Ити Афанасий Федоров», - диэн сипсийбитэ. Хайа сахха кэпсээннэри суруйар уолу ойоҕоһуттан муодаргыы одуулаабытым. Уол ону сөбүлээбэтэҕэ, мин диэки кыыһырбыттыы көрөн ылаат, тахсан барбыта.
Сотору литературнай куруһуокка суруйтарбытым. Педучилище иһигэр Егор Сидоров диэн уол аата биллэрэ. «ХаЛаан да улахан суруйааччы тахсар киһитэ», диэн төлкөлүүллэрэ. «Улахан суруйааччы тахсыахтаах» киһитэ Сидоров кырдьык да кыахтаах уол этэ. Кини айылҕаттан баһархайдык биэриллибит талаанын сайыннарбатаҕыттан мин арыт мунчаара саныыбын, доҕорбун Дьөгүөссэни сэмэлиибин. Ким билиэй, киһибит, баҕар, бу сылларга кырдьарын саҕана сирэлийэн тахсыа, баар батарбат эбээт! Дьөгүөр үрүҥ хоһоонунан суруйбут хоһооннорун бэйэтэ ааҕара, истэ-истэ мин не сүрэхпиттэн сө- бөрүм-махтайарым. Қини драманы эмиэ суруйбута, оччоттон ыла киэҥ билиилээҕинэн, элбэҕи аахпытынан аатырара.
Афанасий Федоров хоһоону суруйбат этэ. «Айар үлэбин маҥнайгыттан кэпсээнтэн саҕалаабытым» диэн мнэхэ этэрэ, Куруһуокка кини кэпсээннэрин дьүүллэһэрбит. Куруһуокпут салайааччыта А. Қ. Сивцев саха литературатын дириҥник билэр, истиҥник таптыыр киһи этэ. Афанасий Федоров чаҕылхай талаанын тута өйдөөбүтэ уонна күөдьүтэ сатаабыта. Литературнай куруһуокка Афоня армияттан кэлбит Зыков диэн саллаат ахтыытын туһунан суруйбут кэпсээнин ааҕан добдуйа турара харахпар бу баар. Куруһуокка мин «дьүүллэнэр» уочаратым эмиэ кэлбитэ. Қүн тахсыытын туһунан, айылҕа уһуктуутун, аан дейду сырдыктан үөрэн-көтөн, өрөгөйдөөн барарын туһунан кэлсээпинэн суруллубут хоһооммун ааҕан биэрбитим. Ааҕан бүтээппип кытта уу-чуум- пу буолбута. Мин Афоня диэки хараҕым кырыытынан көрөн ылбытым. Кини харахтара чоҕулуйан мичээрдин олорор этэ. Сөбүлээбит быһыылааҕа. Буспут дөлүһүөҥҥэ майгылыыр сирэйдээх, кыараҕас харахтаах кыыс: «Дьэ уус тыллаах оҕо эбит»!- диэн сүөлүргээбиттии дуу, сөхпүттүү дуу саҥа аллайбыта. «Уус тыллаах оҕо» буруйдаах курдук туттан, саҥата суох олорбохтообутум. Биир эр бэрдэ ойон туран эгэлээх- тих ыйыппыта: «Ити «аанньал» диэн тугу ааттыыгын?»
Мин туох да диэн хоруйдуохпун булбатаҕым: «Аанньал… Аанньал диэн үчүгэй тыын…» - диэт түннүк диэки көрөн кэбиспитим, Дьоннорум тоҕо эрэ күлсү- бүттэрэ. Уолум иккиһин кимиилээхтик ыйышпыта: «Айымньыгар Лена өрүс туһунан ахтан аһараҕын, Лена өрүһү көр- бүгүн дуо?» Мин эмнэ ыксаабытым: «Көрбөтөҕүм… Ол эрээри көрбүт кур- дукпун…»- диэт үөһэ тыыммытым. Дьонум күлсэн тоҕо барбыттара. Мин иэдэһим итийбитэ, буха, кытаран хааллаҕым буолуо. Куруһуокпут салайааччыта чуумпуралларыгар көрдөспүтэ, хоһооннорбун өссө ааҕарбар мингиттэн көрдөспүтэ. Мин абарбытым бэрт буолан дорҕоонноохтук ааҕан барбытым. Хоһоошорбуп аахтаҕым аайы күлсүү, сэргэхсийии буолан испитэ, «Хоһооннорум мәлтөхтөрө бэрт буолан күлсэн эрдэхтэрэ…» - дия санаабытым уонна синигэр түспүт киһи сиэринэн, харса суох лаҕан субуруппутум:
Құлэр-үөрэр
Күммүт көрдө,
Этэр-тыынар
Кэммит кэллэ.
Эдэр сүрэх
Күүскэ тэптэ,
Өрө түллээт
Чуордук эттэ:
«Қырдьаҕастыын
Кылыйыаҕыҥ,
Эмээхсинниин
Эһиэкэйдиэҕин!»
Ыллам Ылдьаа
Ымах гынна:
«Оннук, оннук,
Оннук!»- диэтэ.
Мэтэс Биэрэ
Мичик гынна:
«Чэйиҥ, чэйиҥ,
Чэйиҥ!»- диэтэ.
Аны күһүн туһунан хоһоон:
Аныр көтөр: «Ыраах!» диэт
Ыраах сиргэ аттаммыт,
Өмүрэх Өкүлүүн өмүрэн
«Пахай! Татат!»- дии хаалбыт.
Эмис тыһаҕас эрэйдээх
Эймэнийэ маҥырыыр,
Идэһэ буолар, эт буолар
Иэдээннээх күнүн саныыр.
Мааны Баһылай барахсан
Маккыраччы ытаабыт,
Маарыйата арахсан
Атын уолу булбут.
Күтүөт Сүөдэр көөдөҥнөөн
Кыннын аахха барбыт,
Суоратыттан көҥөнөн
Соппуруон үүрэн таһаарбыт.
**Күрэх мунхата оҕо аймахха улахап бырааһынньык буолара. Муҥха тахсыар диэри килэҥ мууска хатыыскалыырбыт, маанытык таҥныбыт дьахталлар ыраас хаарга атах тэпсэ, илии охсуһа, дьиэ- рэҥкэйдин оонньууллара. Балык кэлэр чинчитин биллэххэ бары сапаабыт көтөҕүллэрэ, көрдөөх, элэктээх тылларынан бырахсарбыт, уус тыллаах, түргэн тутуулаах, оонньуулаах-күлүүлээх онно биллэрэ, үчүгэй дьүһүннээх кыыс онно дьон хараҕар быраҕыллара. Мин бүтэһикпэр «Күрэх муҥхата» диэн хоһооммун аахпытым.
Күрэх муҥхата буолан
Күндэлэс күөллэр үөрүстүлэр,
Аттаахтардыын, сатыылардыын
Куул тутуурдаах сүүрүстүлэр.
Ойбон тэһэн, мууһу көйөн
Хатан анньыы чыбыргыыр,
Хороопноох кырынаас курдук
Маҥан нырыы кылбараҥныыр.
Бөҕүөрэн, атах тэпсэн
Түнэ этэрбэс түрдүргүүр,
Үлүһүйэн, илии охсуһан
Тыс үтүлүк табыргыыр.
Қиэһэлик муҥха тахсан
Чардаат тула дьон чуоҕуһар,
Ымсыырбыт, күүппүт, үөрбүт
Хара харах чоҕулуйар.
Муҥхалаах сөҥөн туран
Мөҥөн-этэн түтүөлэнэр,
Түргэн илии сүүргэ баһан
Түнэтэн күлүҥнэтэр…
Хоһооннорбун сирбэтэхтэрэ. Ийэ дойду уонна партия туһунан элбэхтик уонна күүрээннээхтик суруйарбар ыҥырбыттара. Ити уон биэстээхпэр суруйбут хоһооннорбун соторутааҕыта эргэ кумааҕыларбыттан булан баран интэриэһиргээн аахпытым. Олоҕу үөрэ-көтө, мичээрдин көрүү ити хоһооннорго баарга дылы. Дорҕоонноох тыллар суохтар. «Үрдүттэн уруйдааһынтан-айхал- лааһынтан, хор. оччоҕо да туттунар эбиппин ээ»,- диэн испэр санаабытым. Маннай хоһооннору суруйарбар дор- 5оон кэнники сүһүөхтэрэ дьүөрэлэһиилэрин - рифманы занньа ахсарбат этим, рифманы тутуһарга, кини суолтатын. өйдүүргэ культурам да, техникам да тиийбэт этэ. Үгэһи батыһан, хоһоон инники эрэ дор5оонноро дьүөрэлэһиилэригэр болҕомтобун уурарым. «Рифма саха тылып не айылҕатын кэһэр, ийэ тылбыт ис дууһатыттан тахсар буолбатах, таһыттан сыһыарыы», диэн куолулуурум. Дьиҥэр, рифма саха тылын. кыаҕын байытарын, кини кырааскатын, оһуорун-мандарын элбэтэрин кэлин өйдөөбүтүм…
Афоня Федоров, Егор Сидоров уонна мин улам-улам доҕордуу буолбуппут, үһүөн бииргэ хаартыскаҕа түспүппүт, Ол хаартысканы көрдөхпүнэ күндү доҕорбун Афоняны өйдөөн, оргууй үөһэ тыынабын. Қини талаана сэдэхтик төрүүр күүстээх талааннартан биир дьиктилэрэ этэ. Қини кыаҕын снтэ туһаммакка, ситэ сирэлийбэккэ, уһаарыллыбакка өлөн хаалбыта.
Педучилище иккис курсугар үөрэнэ сырыттахпына, кыһын аҕабын Өлөөн орто оскуолатыгар завуһунан, убайбын онно учууталынан анаабыттара. Мин кинилэри кытта барсар буолбутум, Қы- лыҥҥы киэһэ бэс ойуур саҕатыгар со- ботоҕун үөрэммит училишем уоттарын одуулаан турбутум. Аҕыйах бириэмэ устатыгар училище миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Мип төрөөбүт литературабын таптаабытым, кипи кимтэн кинпиээҕин, хантан хааннааҕын билээри бэйэм поруо- тум историятып, культуратын хасыһап үөрэтэргэ бигэтик быһаарыммытым. Училище маннайгы курсун бүтэрбит сааспар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии биһиги килбиэннээх кыайыыбытынан түмүктэммитэ. Сэрии сыллара биһигини элбэххэ үөрэппиттэрэ. Төрөөбүт ыырбыт интэриэһинэп эрэ буолбатах, бүтүн Ийэ дойду интэриэһинэн олорорго сэрии сыллара үөрэнииттэрэ. Ол тыйыс, дьиппиэр сыллар муударай үөрэхтэриттэн саамай күндүлэрэ, баҕар, ол буолаарай?…
Бүлүүттэн Өлөөҥҥә саҥа дьыл бытарҕан дьыбар түүнүгэр ат сыарҕатыгар олорон аттаммыппыт. Ол курдук сыарҕалаах атынан уонна табанан бэрт өр айаннаан Өлөөнү булбуппут. Аара айаннаан иһэн Сахам сирэ тайалҕаннаах таһаалааҕын, киэҥ хоннохтооҕун илэ харахпынан көрөн итэҕэйбитим. Сахам сирин устун ити мин маҥнайгы уһун айаным этэ. Ыйдаҥа түүннэргэ чоіголох алаастар иччитэх өтөхтөрө лүнкүрэн тураллара, ити өтөхтөргө былыр кимнээх эрэ сүллүүкүн иһиллээтэх- тэрэ буолуо…
Ол айаннаан иһэн Сахам сирин кыһыҥҥы айылҕата төһө да тыйыс буоллар ураты кэрэтин билбитим. Сарсыарда кырыарбыт хахыйахтарга хара улардар утуйан олороллоро, маҥан хаарга саһыл, бөрө, куртуйах суоллара дьэрэкээннэнэн сыталлара. Қөмнөбү бүрүммүт аар тииттэр кыһыҥҥы күн тоҥуй уотугар үрүҥ көмүс куйахтаах олоҥхо боотурунуу күлүмүрдүүллэрэ. Маҥан кырынаас суорҕаннаах күөллэр, үрэхтэр, үрүҥ оҕус курдук үллэн көстөр хайалар, аата-ахсаана биллибэт алаастар… Айаммыт суолун устатыгар симиэбийэ дьиэлэргэ, кыараҕас үүтээннэргэ, тимир oһохтоох балааккаларга, тордохторго хонуталаабыппыт, араас дьоннордуун билсибиппит. Өлөөҥҥө олунньу ый тохсус күнүгэр тиийбиппит. Саха сирин хотугу уһуга бэйэтэ уратылаах, туһунан кэрэлээх эбит этэ. Қиэһэ аайы халлааҥҥа дьүкээбил уота суһумнуура, бөһүөлэк кытыытыгар балааккалар, тордохтор чуоҕуһан тураллара, тиэргэннэргэ табалар чуучугурууллара.
Мин эбээн оҕолорун кытта табаарыстаспытым, доҕордоспутум. Мин үөрэнэн испит педучилишем программата орто оскуола программатынааҕар төрүт атын буолан алгебраҕа, тригонометрия- ба ыарырҕаппытым. Наумов диэн математикаҕа чаҕылхай дьоҕурдаах уол миэхэ көмөлөспүтэ, онон балтараа ый буолаат ситиспитим. Историяҕа мингин билигин биллиилээх ученай Илья Самойлович Гурвич үөрэппитэ, Кини хоһо музей курдуга, Онно Өлөөн былыргы олохтоохторун туттар маллара, тэриллэрэ элбэх да этилэр. Кини бөдөҥ научнай үлэни суруйарын билэрбит, ытыктыырбыт, туох кыалларынан көмөлөһө сатыырбыт.
Саас буолуута Өлөөн олус да тупсар. Суорба таас хайалар иэдэстэрэ книрбэт күн уотугар улуутук килбэчийэр. Хапчаанынан таас үрэхтэр ньирилни, күүгэннирэ усталлар, Кыр таастаах тоҥ буорга эрэйдэнэн үүммүт наҥнаҕар тииттэр таба саҥыйахтаах эбээн дьо- нунуу үмүөрүһэн тураннар, оргууй сээ- дьэлиир курдуктар. Үрдүк туруук таас анныгар Өлөөн өрүс былыргы ох саа кирсинии сыыйыллар, эстээри гыммыт ох саа чаачарыныы нэҕиллэр. Түргэн сүүрүктээх бу былыргы хотугу өрүс кытылыгар тэллэйгэ дуу, сэлээппэ кэппит киһиэхэ дуу майгылыыр туруук таас баара. Мин опно киэһэ аайы таптаан турарым. Мэнэһик хайаларынан кир- биилэнэр саҕаҕы, тугут курдук кылбайар киирбэт күнү, Өлөөн өрүс халааннаабыт үөһүнэн халтарыйан эрэрдин рулаһар ку кураҕаччылары өөр-өр одуулуурум. Уҥуор Үрэн турбутунан тоҥон хаалбыт уу оҕуһунуу сүлүтүйэн көстөрө, Күн киирбэт буолан түүнэ да, күнүһэ да биллибэт этэ. Эдэр ыччаттар түүннэри күүлэйдииллэрэ. Москваттан, Ленинградтаи геологическай экспедициялар партиялара самолетунан быһа көтөн кэлитэлээн барбыттара. Өлөөн бөһүөлэгэ сэргэхсийбитэ.
Мин онно тохсус кылааһы бүтэрээт, Якутскайга 2-с орто оскуолаҕа үөрэнэ барар буолбутум. Дьоллоох Дьокуускай куоракка! Саха бөдөҥ суруйааччылара, артистара, художниктара олорор сирдэригэр!… Онно тнийэн хайдах үөрэммитим, аптаах тыл абыланар хайдах ылларан барбытым - туһунан кэпсээн, Ол туһунан кэлин…