Кэпсээ
Войти Регистрация

Таатта (Боотурускай)

Главная / Кэпсээ / Таатта (Боотурускай)

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
30.10.2024 13:24
180 0

Содержание

Уус-Амма

Уус-Амма нэhилиэгин историятын кэрчиктэрэ

  • 1911c. Боотурускай улуус 1-кы Дьохсо5он нэhилиэгиттэн Уодай а5а ууhун араарар туhунан Поликарп Иванович Слепцов, Семен Васильевич Большаков Саха уобалаhын губернаторыгар көрдөhүү түhэрбиттэр. 5 а5а ууhа: Уодай, Түөкэй, Ма5арас, Кыйыгый, Ма5аас.
  • 1912с. Уодай а5а ууhа туруорсуутунан Областной управа мунньа5ын 11 №-дээх быhаарыытынан I  Дьохсо5он  нэhилиэгиттэн арахсан  туспа  Уус-Амма  нэhилиэгэ  тэриллибитэ, староста  Слепцов  И.Н.
  • 1915с. Төрүккэ сугулаан  дьиэтэ  тутуллар,  староста  Митрофан  Герасимов.
  • 1918 биэрэпис докумуоннарынан  Уус-Амма  нэhилиэгэр  4  а5а  ууhа  олорбуттар: Уодай, Чымынаайы, Үрүң Хайа, Төрүт.
  • 1924с. Чымнаайыга ревком  састаабын  маннык   талбыттар: Д.Попов, Д.С.Бястинов, К.Я.Кондаков, Р.М.Герасимов, И.Герасимов.
  • 1930с. Уус-Амма нэhилиэгин территориятыгар  икки  нэhилиэк  баара: Со5уй-Амма, Уус-Амма.
  • 1930с. Маңнайгы «Ыңырыылаах» колхоз тэриллибитэ: председатель  Самыров  Хрисанф  Афанасьевич, бухгалтер  Хоютанов  Петр  Артемьевич.
  • 1930с. Уодай Амма  уонна  Со5уй  Амма  холбоhон  Уус-Амма  сельскэй  сэбиэтин  тэрийэр  уураах  ылыллыбыта.
  • 1931с. «Кыhыл Хайа» колхоз тэриллибитэ: председатель Винокуров  Ериллей, суотчут  Антоев  Миитэрэй.
  • 1936с. «Уодай» колхоз тэриллибитэ: председатель Аргунов С.М., суотчут Атастыров Н.Н.
  • 1931с. Со5уйга «Ньургуhун» колхоз  тэриллибитэ: председатель Протопопов В.Е.
  • 1931с. Маңнайгы оскуола Хоютанов Михаил Прокопьевич кэтэх  дьиэтигэр  аhыллыбыта, оскуола5а 23 о5о үөрэммитэ.
  • 1934с. «Төрүт күүhэ» колхоз тэриллибитэ: председатель Степан  Оготоев.
  • 1957с. Колхозтар бөдөңсүйэн  «Ньургуhун», «Уодай», холбоhон «Уодай» колхоз, «Тимошенко», «Кыhыл Хайа», «Ыңырыылаах» холбоhон «Труд» колхоз  буолтара.
  • 1955с. «Труд» колхоз үлэ5э үрдүк  көрдөрүүлэрин иhин Бүтүн Союзтаа5ы тыа хаhаайыстыбатын быыстапкатын  кыайыылаа5а буолбута.
  • 1958с. Уодай учаастагар  дьааhыла-сад аhыллыбыта, сэбиэдиссэй  Андросова  А.Н.
  • 1960с. Чымынаайыга детсад аhыллыбыта, сэбиэдиссэй  Винокурова А.И.
  • 1965с. Чымынаайы алын сүhүөх оскуолата 8 кылаастаах  буолбута, саңа почта дьиэтэ үлэ5э киирбитэ, начальник Коммунар  Черкашин.
  • 1970с. Алексеевскай оройуон «Бочуотун кинигэтигэр» Уус-Амма нэhилиэгэ үлэ5э, общественнай бэрээдэккэ үрдүк көрдөрүүлэрин иhин В.И.Ленин 100 сыллаах үбүлүөйүнэн киирбитэ. Нэhилиэк сэбиэтин председателэ Посельскай Е.И., партийнай секретарь  Татаринов  С.Н.
  • 1985с. 400 миэстэлээх саңа ыанньык комплекс-хотон тутуллан үлэ5э киирбитэ, управляющай А.С.Аргунов, тутуу биригэдьиирэ Н.Ф.Львов.
  • 1987с. Оскуола 11 кылаастаах буолбута, директор Арылахов О.И.
  • 1992с. Национальнай оскуола концепциятын олоххо киллэриигэ, оскуола авторскай быраабы ылбыта.
  • 1993с. Оскуола саха бастакы очеркист суруйааччыта Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааhын аатын сүгэр.
  • 1990-92сс. Уус-Амма сельскэй советтара уонна кини президиума.
  • 1992-93cc. народнай депутаттар Уус-Амматаа5ы сельскэй Сэбиэттэрэ уонна кини аччыгый сельскэй сэбиэтэ.
  • 1993с. Уус-Амма нэhилиэгин олохтоох дьаhалтата, председатель Посельская Р.С., баhылык Большаков А.А.
  • 1998с. Сааскы халаан уутугар Чымынаайы улаханнык эмсэ5элээбитэ, баhылык Тистяхов И.И.
  • 2000с. Перепись түмүгүнэн 601 киhи (студеннары аахпакка туран).
  • 2003с. Уус-Амма нэhилиэгин сирин иэнэ – 23 544га.
  • 2006с. «Уус-Амма нэhилиэгэ» муниципальнай тэриллии тэриллибитэ, баhылык Васильев Е.В.
  • 2007с. Культурнай-спортивнай комплекс үлэ5э киирбитэ, спортинструктор Хоютанов С.С.
  • 2008с. Саңа арыы сыа5а үлэ5э киирбитэ, маастар Антоева В.К.
  • 2007-2008сс. Чымынаайы сааскы халаан уутугар 100% улаханнык эмсэ5элээбитэ.
  • 2009с. «Айтал» сынньалаң киинэ аhыллыбыта, директор Саввина М.А.
  • 2010с. «Ыччат Аартыга» ТХПК тэриллибитэ, директор Бурмистров И.И.
  • 2012с. Саңа почта дьиэтэ үлэ5э киирбитэ, начальник Тистяхова О.Х.

Дэбдиргэ бөһүөлэгин остуоруйата

Е. Д. Андросов суруйарынан былыр Дэбдиргэ күөлүн үрдүгэр хатыҥ чараҥҥа 3 улуу ойуун көрсөн күрэстэспиттэр. Үс түүннээх күн кыырбыттар, онтон «Үтүө дойду эбит, хайабыт да кыайбата, Дэбдиргэлээх диэн буоллун!» – диэбиттэр. Онтон ыла Дэбдиргэлээх, Дэбдиргэ диэн буолбут. Э. К. Пекарскай тылдьытыгар (2191 стр.) «Дэбдиргэ» диэн тыл эбэҥкилии «бэлэх биэрии», сахалыы «салама», сороҕор «дөлбүргэ» дииллэр диэн суруллар (А. С. Бойтунов «тэптиргэ» (булчут тэрилэ) диэн сахалыы тылга тэҥнээбитэ.

Дэбдиргэҕэ дьон былыр-былыргыттан олорбуттар. Бастакы ыал Баайка Захаров эһэтэ Болтохой Дьаакып (Алексеев) дьиэ кэргэнэ. Кинилэр дьиэлэрэ Дэбдиргэлээх алааска билиҥҥи оскуола оннугар турбута. Кэлин арҕаа Кураанах алааска Киргиэлэй Бояров, Сымалыырга Хооһой – Афанасиф Лонгинович Бояров, Чаамык диэн дьон олорбуттар. Болтохой Дьаакыптаах Алексеевтар диэн араспаспаанньаларын Яковлев диэҥҥэ уларыттарбыттар.

Дэбдиргэ бөһүөлэгэ 1929 с. улаастар, сайдар. Моччоҕо, Мээндийэ, Сымалыыр, Чабычах, Дэбдиргэлээх, Кураанах диэн алаастарга арахсар. Бу сылтан ыла бөһүөлэктээһин күүскэ ыытыллар.

Чычымах нэһилиэгин историятыттан

Маҥарас Аммата урут 5 аҕа уустаах 1 Дьохсоҕон нэһилиэгэр киирсэрэ. Аҕа ууһун арааран туспа нэһилиэк оҥоруу төрүөтэ сир былдьаһыгыттан үөскээн тахсыбыт. Аҕа ууһун туспа нэһилиэк оҥоруу өр барбыт. Улуус мунньахтарыгар туруорсууга үөрэхтээх, олус сытыы өйдөөх, ылыннарыылаах тыллаах Майданов (Андреев) К. А. уонна учуутал Афанасьев П.В. үгүстүк үлэлэспиттэрэ. Архыыптан көстүбүт 1921 с. бэс ыйын 13 күнүнээҕи Таатта улууһун съеһин протоколугар оччолорго өссө да арахсарга туруорсуу үлэтэ бара сылдьара көстөр. Онтон ити сыл от ыйыттан ыла хамнас төлүүр биэдэмэстэргэ «Аллараа-Амма» бэрэссэдээтэлигэр, сэкэрэтээригэр, остуораска хамнас ааҕыллыбыт. Ити докумуоннарга уонна эмиэ ити ыйтан саҕаламмыт нэһилиэк ревкомун сэкэрэтээрэ толорбут оҕо төрөөһүнүн, ыал буолууну, өлүүнү суруйбут анал сурунаалыгар олоҕуран Аллараа Амма нэһилиэгэ 1921 сыл от ыйыгар тэриллибит диэххэ сөп.

Амма нэһилиэгэ, Чычымах сэлиэнньэтэ улуус кииниттэн 60 км ыраах сытар. Уус Амма, Орто Амма, Дьохсоҕон нэһилиэктэрин, Уус Майа, Томпо, Чурапчы улуустарын кытары кыраныыссалаһар, 517 тыһ. га иэннээх сири тайаан сытар.

2016 с. тохсунньу ый 1 к. туругунан нэһилиэнньэтин ахсаана – 724 киһи. 266 хаһаайыстыба, 179 чааһынай дьиэ, 279 транспорт, ол иһигэр, 127 массыына, 152 трактор баар.

  • 1899 с. Николаевскай таҥара дьиэтэ үлэҕэ киирбит. Бастакы аҕабыыт Иван Винокуров.
  • 1900 с. Учайга А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй сахалыы бастакы уус — уран «Байанай алгыһа» айымньыны суруйбута
  • 1916 с. маҥнайгы Аан дойду сэриитигэр «Аллараа Амма нэһилиэгиттэн 50-ча киһини ыытаҕыт» диэн улуус дьаһала тахсыбытыгар барар дьон Ынахсыт алааһыгар мустубуттар. От ыйын 18 күнүгэр «сахалары армияҕа ылбаттар үһү» диэн сураҕы истэн ыһыах ыспыттар, өрөгөй остуолбатын туруорбуттар.
  • Маҥарас аҕатын ууһа 1 Дьохсоҕонтон арахсан Амма нэһилиэгэ буолбутугар улахан өҥөлөөх Майданов (Андреев) Куприян Алексеевич
  • 1929 с. саас оскуолаҕа маҥнайгы комсомольскай ячейка тэриллибитэ.
  • 1931 с. 3 колхоз холбоһон 80-тан тахса хаһаайыстыбалаах “Чычымах” артыал буолбуттар. Председателинэн Новгородов Н.Н. анаммыт.
  • 1941-1945сс. Аҕа дойду сэриитигэр Амма нэһилиэгин сириттэн-уотуттан 143 ньургун дьоммут ыҥырыллан барбыттара. Кинилэртэн 37 киһи үлэ фронугар сылдьыбыта.

Уоттаах сэрииттэн Кыайыы кынаттанан алаһа дьиэлэригэр барыта 50 буойун төннүбүтэ. Аҕа дойдуларын көмүскэлин иһин сырдык тыыннарын толук ууран кыргыһыы толоонугар 56 киһи охтубута.

  • 1950 с. «Көрдөрүүлээх» колхоз «Чычымах» колхозка холбоспута.
  • 1952 с. «Кыһыл Алдан» колхоз «Чычымах» колхозка холбоспута.
  • 1952 с. Газ-51 массыына кэлбитэ. Саамай маҥнайгы суоппар Кулачиков Иван Иустинович буолар.
  • 1954 с. «Аллараа Амма» уонна «Кыһыл Алдан» нэһилиэктэрэ холбоһон Амма нэһилиэгэ диэн ааттанар
  • 1955с. Электрическэй уот биэрэр станция холбоммута, радиоузел үлэлээбитэ.
  • 1955 с. ТХБСБ сылдьан көрбүтүн үтүктэн нэһилиэккэ бастакы велосипеды маһынан стахановец, дэгиттэр уус Иван Ефимович Богдокумов оҥорбута.
  • 1975 с. Саамай бастакы телевизоры Хоноеховтар дьиэ кэргэттэрэ көрбүттэрэ.

Матырыйаал МКУК "Таттинская МЦБС" taattalib.ru ылыллынна

Добавить комментарий