Главная / Кэпсээннэр / Иитиэх кыыс
Добавить комментарий
изображение сгенерировано Dalle 3 Автор: саина - 13 ноября 2013 01:30
Тороппут ийэм барахсан мин 5саастаахпар суох буолбута....мин эдьиийим уонна а5абыт буолан бэйэбит эрэ тоьугураьан хаалбыппыт.Ийэм уьун унуохтаах кыраьыабай ба5айы сырдык хааннаах,уорбут-коппут сырдык сэбэрэтэ мин ойбор хатанан хаалбыт.А5ам сурдээх улэьит,аьыныгас добрай киьи.Ийэм барахсан оччолорго кэтэхтэн уорэнэр эбит куораттан биьигини о5олорун тапталлаах кэргэнин, корсоору ыксаан иьэннэр авария5а тубэьэн биир кун ийэтэ сох хаалбыппыт((((Ол киэьээ ааммытын тонсуйаннар ийэм улахан суумкатын киллэрбиттэрин ойдуубун.Ону мин мамам кэллэ ден уоруу бо5обун суумкатын арыйа баттаатым да ийэм кэьиилэрин хостообутунан бардым.А5ам эдьиийэ тохтоло суох ытыыр этэ арай.Биьиги о5олор буоллахпыт дьи хантан ойдуохпутуй ийэбит аны хаьан да кэлбэтин,кини бутэьик кэьиилэрин ылбыппытын.Дьиэбит иьигэр биирдэ киьи бо5о баар буола туспутэ тугу эрэ отур ботур кэпсэтэллэр этэ-о5олору Даайалаахха илдьин-дииллэрин ойдуубун.Лияны(эдьиийим аата)уо.миигин кэлэ кэлэ бары аьыммыт баитык короллоро сорохтор сыллыыллара ин.Тулаайах барахсаттар диир буолбуттара...
Ийэбин коморго биьигини илдьибэтэхтэрэ.Арай аьааьынна баар этибит.Билигин ол ойдобулэ полароид хаартыскалар бааллар.Эдьиийбин кытта иккиэн биьиги эрэ уорбут сирэйдээхпит иккиэн барби куклаларбытын (ийэбит бэлэхтэрэ)кууьан баран олоробут.Туох эрэ бырааьынньык курдук санаатахпыт буолуо.Кып кырачаан о5олор буоллахпыт дьи.Ол кэннэ биьиэхэ эбээбит коьон кэлбитэ.Сиэннэрин коро диэн кэлээхтээтэ5э буолуо.Бастаан наар ыйытар этим мамам хаьан кэлэр диэн.Туннуккэ кэлэрин кэтэьэн баран олорооччубут.Ону мама5ыт уоьээ халлаанна баар дииллэр этэ.Дьэ ону биьи халлааны кор да кор мамабытын була сатаан...
Ол курдук эбээм а5ыйах бириэмэннэн тоттору дойдутугар барбыта.А5ам о5олорбун бэйэм иитиэм диэн биэрбэтэх ...хотя эбээм ыла сатаабыт уьу.Дьиэбит иьигэр алаадьы сыта суох буолта биирдэ кураанахсыйбыта.А5ам барахсаны билигин аьынабын ээ эдэр баи киьи бээтэ хаалла5а дьи.Детсадка барарбытыгар баттахпытын ор баи орор этэ.Биьи кынкыйдырбытын барытын тулуйан аны маскарад тигэр этэ тууннэри.О5олортон туох да итэ5эьэ суох этибит.Эдьиийим ол сыл куьунугэр оскуола5а киирбитэ.А5ам иккиэммитин наар бэйэтэ таьааччы улэтин быыьыгар.Ийэбитин суохтаппакка буола сатыыр этэ.Иьигэр тоьо курутуйа сылдьыбытын тапталлаах кэргэнэ суох буолбутун аьыйан тоьолоох ытаабыта-сонообута буолуой?айбыт танара бээтэ эрэ биллэ5э.
Ол курдук а5абыт ийэбитин солбуйан уьуон олорбуппут.Дьонум киэьээ аайы уруок аахталлар этэ.Эдьиийбэр ымсыыран бо5о буоларым кини курдук оскуола5а киириэхпин ба5арарым.Мин эдьиийбин кытта иккиэн хоонньоьон утуйабыт а5абыт таспытыгар сытар.Ол сытан мамабытын ахтан иккиэн ытыыбыт.А5ам ийэм сыттыгын кууьан сытааччы.Мин ким да суо5ар мамам танастарын наар сыттаан имэрийэн тахсар этим.То5о эрэ ийэм маллара косметиката,танастара барыта ыскаапка сааьыланан турбуттарын курдук тураллар этэ.
Икки сылынан мин эмиэ оскуола5а киирбитим.А5абыт биьиги таспытыгар буолаары оскуола5а учууталынан киирбитэ.Кини дьинэр бэйэтэ история учутала идэлээх этэ.Ону то5о эрэ идэтинэн улэлээбэккэ ор ба5айы райпо диэн тэрилтэ5э улэлээбит этэ.Ол курдук аны уьуон оскуола5а сылдьабыт.Эдьиийим Лия наьаа самостоятельнай кыыс миигин баттахпын орор танаспын саппын бэрийэр.Аны иккиэн музыкальнай школа5а киирбиппит.Сарсыарда уорэнэбит эбиэттэн киэьээ музыкальнайга барабыт.Мин танцевальнайга сылдьабын Лия фортепиано5а.Дьиэбитигэр кэлэн Лия оьох оттор мин чэй оргутабын.А5абыт эт ириэрбит болааччы ону Лия кырбыыр онтон а5абыт кэлэн ситэрэн астаан биэрэр.Онтон уьуон олорон уруок аахтабыт.Ийэбитин син-биир саныыр ахтар этибит.Бириэмэ эмтиир дииллэрэ кырдьык эбит.Биьи дьиэбитигэр улам кулуу иьиллэр буолбута.Атын о5олор оонньуу киирэллэрэ.Ыаллаах оонньоомут дьиэбитин бутуннуу ыьан кэбиьээччибит ону а5абыт олох мохпот этэ.Уопсайынан олох мохпот этэ кини.
А5ам арыгыны испэт этэ,биирдэ да итирик сылдьарын корбото5ум.Бэйэтэ ис иьиттэн ыраас,сэмэй уо.кыраьыабай киьи этэ.Кини курдук дьоннору о5ону кытта о5о,эдэри кытта эдэр,кырдьа5аьы кытта кырдьа5ас дииллэр сурдээх.элэккэй,бэьиэлэй улэьит этэ а5ам барахсан.Биирдэ уорэнэ олордохпуна миигин а5ам кылаастан конуллэтэн ыныран ылла.Тахсыбытым Лия эмиэ турар эбит а5ам хайдах эрэ хомойбут коруннээх этэ.Иккиэммитин дьиэбитигэр илтэ биир сумка5а танаспытын хомуйда уо.-эбээбит мама5ытыгар барбыт!,диир,ону мин -эбээ маманы ыла барбыт да?диибин.Ону Лия -акаары эбээ олбут мама курдук!дии дии хоско суурэн хаалла.А5абыт биьигини Даайалаахха олорор буолуоххут мин кэлиэхпэр диэри ден баран биьигини хааллартаан барбыта.Биьи ытаан бо5о буолбуппут а5абытын сайыьан эдьиийим оссо туттунар ээ мин буолла5ына -папам мамам курдук олон хаалыа!дии дии ытыырбын ойдуубун.Даайа туьунан кэпсиир буоллахха кини а5ам тастын эдьиийэ бээтэ 3 о5олоох кэргэннээх.Оччолорго миигин ойдообот диирэ ду хайдах ду наар -Коля ойох ылыан наада ити уол буорайда!диэн тахсара(мин а5абын этэр ол аата)Аны Даайа кыргыттара биьигиттэн 3-4 сыл а5алар наар иьит муоста сууйтаран тахсаллара бох тохтороллор.Оччолорго денди ден приставка кэлбитэ муода5а куну быьа онон ооньоон тахсаллар.Биирдэ эдьиийим иьити сууйбаппын ден бууннаабытыгар иккиэммитин кыьын ортото таьырдьа уурэн кээстилэр.Дьонноро сохтар этилэр ол бириэмэ5э ол иьин ата5астыылар буо.О5олор наьаа жестокай болаллар эбит уопсайынан.-Эьиги мама5ыт суох ол иьин дьоннор эьигини аьыналлар-диэн тыллаах буолааччылар.Таьырдьа анньылан баран оор да ор турбут курдк этибит санаабытыгар.Сирэйбит кулгаахпыт улуйэн хаалбыта тонсуйа сатыыбыт да ол дендиларыгар аралдьыйан умнан кээспиттэр этэ.Ол турдахпытына Даайа тиийэн кэлэн айманыы бо5о болла.Тонсуйа сатаата да о5олоро истибэттэр онтон дьиэни эргиччи туннуктэри тонсуйталаата онно дьэ биирдэ арыйдылар.О5лор биьигини короннор кыбыстан хаалбыттара.Даайа иэдэстэрбитин кулгаахтарбытын аал да аал буолбута.Ол киэьээ о5олор таьыллыбыттара уьуон биьиги туох баарынан кэпсээн биэрбиппит-Коля5а туох диибин а!?дии дии ынрыктык хаьытаабыта ол кэннэ о5олоро оссо абааьы корбуттэрэ биьигини.Онтон биьи а5абыт кэлэрин кэтэьэн куммутун дьылбытын аа5абыт.Наьаа да эрэйдэннибит этэ.Хас киэьээ аайы кистээн ытыыбыт о5олор ытыылларыгар МАМА диэн ытыыллар дьи онтон биьи ПАПА диэн ытыыр этибит.А5абыт а5ыйах хонугунан тиийэн кэлбитэ оо уорбуппутуон онно))))а5ам наьаа минньигэс сыттаах этэ иккиэн Лиялыын а5абытыгар хачаастан баран сылдьыбыппыт.Арай корбутэ о5олоро сирэйдэрэ кулгаахтара улуйбут биьи тыллаах чыычаахтар барытын унсэн биэрдибит.А5ам Даайалын тугу эрэ кэпсэтэллэр биьиги а5абыт кэьиитигэр аралдьыйан онно эрэ наадыйбаппыт.Сотору буолаат дьиэлээбиппит ол кэннэ Даайалахха хоно барбат буолбуппут.
Эбээбит барахсан ийэм ийэтэ этэ...бу санаатахха иккиэн утуу-субуу олоохтообуттэр эбит.Биьиги улуус киинигэр олорор этибит онтон эбээбит дэриэбинэ5э.Сайын эбээбитигэр баран конул аьаан- сиэн,оонньоон-корулээн атаахтаан далбардык сылдьааччыбыт.Биир чугас киьибит эмиэ суох буолта.Эбээбит иистэнэр этэ биьиги кыьынны танаспытын барытын кини тигэрэ унту,бэргэьэ,сон кытта тигэрэ.Эбээбит олбутун кэннэ ким биьиэхэ тигиэй суох буо.Ол курдук мин 1-кы кылааьы бутэрэн 2-ис буолтум.Эмиэ оннук уьуон олорбуппутун курдук олорбуппут.Дьиэбитигэр ийэ суо5а син биир биллэр этэ.Дьиэбит хайдах эрэ уютнайа сох ба5айы буолбута.А5ам тоьо да кыьаллыбытын иьин.Уорэхпитигэр иккиэн учугэй этибит уруокпутун Лиялыын аа5абыт да аа5абыт.Дьиэбитигэр грамота тутуурдаах кэллэхпитинэ а5абыт наьаа уорэрэ ону биьиги тугэнинэн туьанан мама туьунан кэпсээ диир этибит.Ону а5абыт утуйаары сытан мамабыт туьунан кэпсиир этэ Лияны хайдах тороппутун онтон миигин тороппутун хайдах дьиэ туттан киирбиттэрин...(((мин харахпын быьа симэн баран мамабын харахпар онорон корорум уо.эдиийбэр ыбылыы сыстан сыстан баран утуйан хааларым.
Мин ункуулуурбун наьаа собулуур этим уо.ункууну уорэтэр учууталбын Лира ден ааттаах этэ кини.Обычно учууталлары по имени отчеству ыныраллар дьи онтон биьи бары кинини Лира диэн ааттыыр этибит.Кини наьаа ис киирбэх наьаа учугэйдик ункуулуур майгыта кытта учугэй.О5олорго олох кыыьырбат уо.о5о киниэхэ учугэйдик сыьыаннаьар киьини чувствуйдуур дииллэр дьи.Мин арааьа Лиялыын эмиэ чувствуйдаатахпыт буолуо.Лира наар биьигини хайдах уорэнэрбитин,доруобуйабытын ыйыталаьар этэ.Миэхэ сольнай ункуу туруорбута ону кэтэьэн эдьиийим олорооччу уо.бутэн баран уьуон дьиэбитигэр аргыстаьан барааччыбыт.Онно Лиялыын наьаа астынабыт уо.хайан да ма5аьыынна таарыйан биьиэхэ кэмпиэт о5ото ду бирэнньик ылан биэрээччи.Кини уопсай дьиэлэргэ олорор этэ онтон биьи дальше.Киэьээ утуйаары сытаммын Лира биьиэхэ олоро кэлиэн мечтайдыыр этим.Мама ин курдук буотах эдьиий ду тетя ду курдук.Ийэ сылааьа тиийбэтэ син биир ото сырытта5а эбээт.О5о барахсан мамаланарын эрэ туьунан мечтайдыыр буо.
Оннук дьыллар хонуктар ааьан испиттэрэ.Биьи Лиялыын улаатан испиппит мин номнуо начальнайы бутэрэн 5-с кыл.буолбутум Лия 7-с.Уорэхпитигэр учугэйбит музыкальнайбытыгар сылдьабыт.А5абыт учууталлыыр этэ.Уопсайынан а5абытыгар проблема хаьан да создаваайдаабат этибит.Хомопокко буола сатыырбыт.Эдьиийим уолаттары корор ин буолбут этэ уопсайынан кини наьаа серьезнай уо.самостоятельнай.Биирдэ туун утуйа сыттахпына эдьиийим ытыырыттан уьуктан кэллим.Уже бээбит туспа хостоох этибит.Ынрык куттанным.Туох буоллун?диибин ону киьим саната сох ытыыр эрэ.А5ам хоьугар суурэн тиийдим а5абын уьугуннардым-Лия онно ытыы сытар диибин.А5ам барахсан туран биьи хоспутугар тиийэн уоту уматта арай Лия дэлби ытаабыт сирэйдээх харахтара иьэн хаалбыттар санныта эрэ ыгданныыр а5атын корон оссо буорайда.Биьи а5абынаан тун тан тустубут а5ай-тугун эрэ ыалдьар да?ким эрэ ата5астаата ду?диэн а5ам урут уоьэ боппуруос боотун ыйытта.Онтон Лия -папа хаан бо5о тахсыбыт,то5о хаан тахсарый,мин олобун да?оччоо Саинка со5отох хаалар даа?дии дии оссо буорайда.Мин эдьиийим олоору гыммыт деммин эмиэ ытаатым.Онтон а5абыт туох хаанай диэн торут ойдообокко олороохтуур этэ Лия суор5анын арыйан кордорбутугэр биирдэ ойдообутэ.-ээ о5ом девушка буолбуккун дии!диэхтээбитэ.Ийэбит баара буоллар быьаарыа этиэ буо со5отох эр киьи ол эрэ туьунан толкуйдаабат.Эдьиийим бастакы ыйдаа5ытын инник ытаан соноон билээхтээбиппит.Билигин санаатахха кулуулээх баи туун ортото кыргыттара ытаьыы бо5о)))
Дьоннор кэпсэтэллэрин кэлэ-бара наар истэр этибит.-Коля ойох ылыан наада,эдэр киьи,кыргыттара да улаатан эрэллэр!дииллэрэ.Ону биьи Лиялыын истэр этибит уо.мамаланыахпытын ба5арар этибит.Атын о5олор маларагыгар ымсыыры бо5обут.Онтон биьиги папабытын атын чуочэлэр син короллоро буолуо.Биьи Лиялыын Лираны мама оностуохпутун ба5абыт кунтэн кун улаатан истэхпит аайы тэбис тэннэ улаатан испитэ.Лира кэргэнэ со5а со5ото5ун олорор этэр.Биьи соро5ор киниэхэ киирэн чэйдээн ааьааччыбыт кини биьиэхэ кумаа5ы куклалары (сыахай)онорон биэрэр этэ.Кини остуолун анныгар ол куклаларбыт сыалай дьиэлээхтэр этэ))))Лирабыт улахан киьибин дэммэт тэбис тэннэ оонньуур)))Лия ыйдаа5ыта кэлбитин кэпсээбиппитигэр барытын хайдах буолуохтаа5ын быьааран биэрбитэ.Ол сааьы мин наьаа ойдуубун то5о диэтэр Лиялыын наьаа ынрыктык бытка ыстарбыппыт.Саатар иккиэн суьуох бо5отобут.А5ам киэьээ аайы ыраастыыр да син биир бытпыт тахса турар.Аны онтон кыбыстан музыкальнайбар барбат буолан хааллыбыт 3-4кун сылдьыбатыбыт быьылаах.Биир киэьээ ол бытпытын ыраастаьа олордохпутуна ааммыт арыллан Лира киирэн кэллэ)))биьи кыбыстыы бо5о аны быттаахпытын билэн кээьиэ диэн.Хантан олох да кунус папбын кытта кэпсэппиттэр эбит Саина то5о кэлбэтий диэбитигэр ол а5ам барахсан кыьал5атын кэпсээбит.Эрдэ Лира уо.а5ам кэпсэтэллэр но тока как учителя.Ол иьин Лира барахсан кэллэ5э дьи.А5ам Лия тоботун ыраастыыр миэнин Лира.Ол олорон эдьиийбин кытта айахпыт хам буолбат то5о эрэ бары наьаа уорбуппут сургэбит кото5уллубутэ.Биьиги дьиэбитигэр чуочэлэр хаьан да ыалдьыттыы кэлээччилэрэ со5а арай Лира кэлбитэ и то биьиги быкка ыстарбатахпыт буоллар кэлиэ со5а эбитэ боло))))))))Ол олорон саныыбын Лира биьиэхэ хаалара буоллаар диэн а5ам- Лира5а хоскутун кордорун мин чэй бэлэмниэм-диэбитигэр Лирабытын икки оттуттэн сиэтэн хоспутугар киллэрбиппит.Хаартыска корбуппут тэтэрээттэрбитин корбутэ уруьуйдарбытын.Эдьиийим Лия фортепиано5а оонньообута мин ункулээн кордорбутум.Бу санатахха туох баар учугэйбитин барытын кордорбут эбиппит)))аны аьыы олорон уруккатан бииргэ олорбут дьон курдук кулсуу-уорсуу,кэпсэтии-ипсэтии бо5обут.Уопсайынан Лира кэлбитигэр дьиэбит мэктиэтигэр сырдаан хаалбыт курдуга.Барар киьи барар кэмэ кэллэ5э дьи ону биьи Лиялыын акаарычааннар хоно хаал ин диибит))))киьи да кулэр неловкай положения5а киллэрдэхпит дьи.А5абыт атаара барбыта биьи иьит сууйа хаалбыппыт.
8март тигинээн кэлбитэ о5олор оскуола5а открытка онороллоро мамаларыгар онтон мин эдьиийбэр Лия5а онордум уо.биир открытканы Лира5а таьыгар "любимой маме Лире"диэннэх этэ онтум.))))музыкальнайга элээрэн тиийэн туттаран кэбистим.Лира наьаа соьуйда да уордэ да сахалыы быр бааччы иэдэспиттэн икки оттуттэн сыллаан ылла оо мин онно дьолломмуппун коруо этигит))))Манна диэн эттэххэ Лира уо.а5ам корсор буолбуттара.Киьи да кулэр биьи бытпыт холбообут курдук буолан та5ыста5а дьи.Ону ыраастаары Лира кун аайы кэлэрэ икки оттуттэн комолоон син кыайбыттара ээ бытпытын.
Ол курдук Лира барахсан а5ам тонуй сурэ5ин уулларан биьи о5олор дууьаларын таарыйан биьиги олохпутугар бигэтик киирбитэ.Со5отохсуйбут чункуйбут сурэхтэр биирдэ чуопчаара туспуппут.А5ам уорэ сылдьар этэ.Биьиги папабытын олох Лира5а кунуулээбэт этибит.Ол сайыныгар а5ам аах холбоспуттара крсуьуу буолбута ин.Лира а5ам араспаанньатын ылбыта онон бары тордуон Петровтар буолбуппут.Лираны тута мама диэн киирэн барбыппыт кини олох утарбата5а.Дьэ биьи эдьиийбин кта сибэкки курдук киэргэнэн баран мамабытын сиэтэн ма5аьыынна барарбыт тордуон походтуур этибит.Уопсайынан наьаа дьоллоох кэмнэр этэ....этэ эрэ диирбэр тиийэбин...
Мамалаах папам 3 эрэ сыл бииргэ олорбуттара.Биир кун а5абыт балыктыы баран баран кэлбэтэ5э.Барахсаным сыыьа ууга туьэн бу кун сириттэн туораабыта.Ооо онно тоьолоох ытаабыппыт сонообуппут буолуоой!?сана дьол диэни билэн испит хороччу улаатан эрэр икки кыыс.Мамабыт барахсан икки иитиэх о5олоох чорон со5отох хаалан хаалта.Биьигини аймахтарбытыгар биэрэ сатаабыттара ону мамам олох биэрбэтэ5э ону ким да моккуьэ да барбата5а.Оннук уьуон эрэ.хаалбыппыт.Арай кыьынны уьун киэьэлэргэ а5абытын ахтан аьыйан ус со5отохсуйбут сурэх ытаан муннанарбыт.
Мин арыт ардыгар саныыбын ээ.Арай ийэм олбутун кэннэ а5ам туора суолга уктэнэн аьаан сиэн барбыт буоллун?!биьиги барахсаттар Лиялыын наар ата5астанан тахсыа этибит.Биьиги учугэй а5алаах буоламмыт дьонтон туора сылдьыбытахпыт.А5ам учугэй улэьит буолан мамабыт курдук учугэй киьиэхэ тубэстэ5э дьи.Иьэр аьыыр киьи эбитэ боллар мамабыт кини диэки коруо суо5а этэ.Биьиги мамабытын бэйэбит булбуппут мамам барахсан утуо сырдык да киьи.Мачеха диэхпитин тылбыт о5уллубэт.Биьи дьиэбитигэр ыарахан куннэр турбуттара.Мамабыт улэлиир этэ биьиги уорэнэр этибит.Бырааьынньыктары ылбат буолан хаалбыппыт.Мин дьиэ ис тас улэтигэр сылдьарым Лия ас астыыр дьиэ иьинээ5и улэлэри онороро.Мамам иистэнэр баайар этэ.Иккиэммитигэр танас бо5о тигэрэ ол сыл наьаа тикпитэ.Арааьа сутугун боруостан умна сатаан аралдьыйар быьыыта буолуо.Олох аччыктаабат этибит дьиэбитигэр наар ас арааьа баар буолара.Ас танас мааныта биьиэхэ эрэ ананара.Мамабыт эдэр буолан эр да дьон короллоро онтуларын открыто этэллэр этэ.Бары уьуон дьуогэлэр курдук этибит.Улаатан истэхпит аайы аны биьигини уолаттар корор буолбуттара.Ону мамам олох сэмэлээбэт этэ.Биьи да бэрээдэк бо5о кыргыттар этибит.Хайдах этиэххэ собуй оннугу стерженньаах этибит внутренняй.Не по годам взрослые дебит курдук этибит.Аны ити переходной возраст ин дииллэр дьи биьиэхэ оннук суох этэ торут.Биьи мамамабыт эдэр киьи диэтэххэ наьаа да муударай эбит.Икки туора дьон о5олорун бээтэ эрэ улаатыннарбыта.Оннук курдук куускэ таптаабыт эбит биьиги а5абытын.
Биьиги номнуо улаатан урдуку кылаастарга уорэнэрбит.Лия 11с мин 9с этим.Дискотекаларга сылдьар буолбуппут.Сайын уулуусса кээмэйдии тахсар этибит ол сылдьан Лиям биир уоллун любовь бо5о буоллулар.Мин кутурук курдук кэннилэриттэн батыьа сылдьааччым.Оннук биирдэ дискотекалаан уулуусса кээмэйдээн дьиэбит диэки хаамсан туун 1ч кэллибит.Дьиэбитигэр киирбиппит мамабыт утуйбакка кэтэьэн олорор этэ.Хаьан кэлиэхпитигэр диэри утуйааччы суох.Эдьиийим бастакы тапталын корсуутэ,бастаан уурааьыыта биьиэхэ секрет курдук мамабар уо миэхэ кэпсиир.Мамам субэлиир амалыыр.Мин идеалларым буолбуттара кинилэр мин эмиэ уолланыахпын ба5арарым да биир да уолу собулээбэт этим.Миигин собулуур уолаттар бары хайдахтар эрэ диибин мамабар...ону мамам мин да о5ом сурэ5ин собулуур уолун корсуо диэхтиир.
Биир сарсыарда утуйа сыттахпытына ааны тонсуйдулар.Ким да биьиэхэ инник эрдэ кэлээччи суо5а.Мамам ааны арыйа суурдэ а5ам эдьиийэ Даайа кэлэн турар эбит.Сирэйэ хара5а дэлби туран хаалбыт унту кыыьырбыт сирэйдээх.Хаьытаабытынан мамам диэки ынан кэлэ кэлэ этэр-о5олорбун биэр мин опекун буолабын!диир.Биьиги киниэхэ барыахпытын отой ба5арбат этибит.Биьи куттанан мамабытыгар хам сыстан ночнушкалаах эрэ турабыт.Бары уолуйан хааллыбыт.-Оссо туспа туора дьахтар мин быраатым дьиэтигэр кииринэн кээспит!ин диир.Оссо элбэх.элбэ5и санаран кутан баран тахсан барбыта.Мин мамабыттан араараары гыннылар диэммин сразу харахпыттан уу хаар бастым.Лия уо мамам миигин уоскутар аакка барбыттара.Кэлин билбиппит ол Даайа биьи харчыбытыгар ымсыырбыт эбит по потере кормильца ылар харчыбытын.Биьигини бэйэтигэр ылан биьи дьиэбитин атыылыыр былааннаах эбит.Бу биьиги чувствабытыгар ин наадыйбат эбит ээ.Хата барыта этэннэ ааспыта.
Куьун ийэ кунугэр бары сочинения суруйбуппут.Мин мамам туьунан сочинения суруйбутум.Мамалар бо5о кэлбиттэрэ хас биирди о5о тахса тахса мамаларыгар сочиненияларын аа5аллар.Мин уочаратым чугаьаан иьэр уоран маамам деки коробун мамам наьаа кыраьыабай болан баран олорор этэ.Долгуйа долгуйа тахсан аахтым арай кылаас иьэ уу чумпу буолан хаалла.Бары миигин корон баран олороллор мин хайдах эрэ аа5абын быьылаах дии дии син биир до конца аахтым.Аа5ан бутээппин кытта ытыс тыаьа бо5о буолла.Арай корбутум ытаабыттар ин этэ дьоннор.Трогательнай баитык суруйбуккун диир учууталым.Мамабын тиийэн сыллаан ыллым мамам барахсан долгуйбут этэ.Ол сочинениябар мин мамабар туох баар тапталбын хайдах курдук таптыырбын суруйбутум уо.бутэьигэр мин мамам мин аттыбар оруу баар буолуон ба5арабын диэн тылынан тумуктээбитим.
Син улам папабытын наьаа кун аайы санаабат буолбуппут мамабыт эьигини дьоннут араначчылыы коро сылдьаллар диэччи.Сана дьылбыт чугаьаан тиийэн кэлбитэ.Биьи бары елка туруордубут дьиэбитин симээтибит.Уьуон киэьээ ыллыы ыллыы сана дьыллаа5ы аспытын астыбыт ол аата тефтель,котлет,пельмень дебит курдук астары уо.терасса5а таьааран тонорон кэбиьэрбит.Мамам кулинарияттан торт халбаьы ылбыта куорчэ5инэн дьэдьэн барыанньатын кытта буккуйан мартышка онорбуппут ону биьи Лиялыын мороженай диир этибит.Ол барыта тон астар ден терраса5а дьааьык урдугэр тураллара.Киирэ тахса коро сылдьабыт сана дьылбытын куутэбит.Сана дьылбыт буолар кунугэр биьи Лиялыын туох эрэ наадатыгар ма5аьынна бардыбыт мамамабыт ас астыы хаалта.Арай сотору буолан баран кэллибит олбуорбут аана тэлэччи терассабыт аана эмиэ тэлэччи арыллан тураллар.Биьи суурэн киирбиппит арай мамабыт барахсан тобото хаан буолан баран сытар эбит сиргэ ойо суох этэ.Кып кыьын тыбыс тымныыга биьи мамабыт халааттаах эрэ терасса5а муоста5а сытаахтыыра.Мин айманыы бо5о буоллум эдьиийим дьиэ5э киирэн скорай ынырда.Мамабытын соьон дьиэ5э киллэрдибит сотору буолаат скорай кэллэ.Хата мамам тыыннаах эбит ол эрэн балыаьа5а илдьэ бардылар.Сана дьыллаан буттэхпит дьи онон...ол астаабыт аспытын уора турдахтарына мамам тахсан биэрээхтээбит эбит.Кырдьык биир да аспыт сох этэ барытын ылбыттар.Мин балыаьа5а мамабар кун аайы баран корсор этим.Мамам олботун диэн киэьээ аайы танараттан кордоьорум.Хаартыскатын сыттыгым анныгар укта сылдьарым.Сотору мамам тахсыбыта.Только слабай баи этэ.Ол уорбут дьон соседтарбыт буолан тахсыбыттара элбэх о5олоох иккиэн иьэллэр этэ мамам дьыала тэрийтэрбэтэ5э.Ол тумугэр мамам тоботугэр травмалаах.Бу анардас дьахтары ата5стаан инник гыннахтара дьи.Киьи да сонньуйар.
Эдьиийим Лия оскуоланы бутэрэр кэмэ кэлбитэ бутэьик экзаменнарын туттаран банкеттыыр кунэ ууммутэ.Мамам Лия5а наьаа учугэй платье тикпитэ прическа онорбута.Эдьиийим наьаа да тупсубут этэ.Мамам эдьиийбин коро коро этэрэ -о5обун дьонун короллоро буоллар тоьо эрэ киэн туттуо этилэр!дии дии эдьиийбин имэрийэн сыллаан ылбыта.Мама эн биьиэхэ бааргын дьи эн эмиэ киэн тутта5ын бытта)))диэн хардарбыта Лия мичээрдии мичээрдии.Дьинэ мамабыт эдэр болла5а дьи оччолорго арааьа 33-35 саастаа5а буолуо.Атын билбэт дьон мамабын эрдэ торообут ин дии саныыллара.Лия мама мин буолан ол сайын уьуон куоракка абитуралыы киирбиппит.Эдьиийим уорэххэ туттарсар мин за компанию.Куоракка олох центрга мамам подругатын дьиэтин снимайдаан олорбуппут.Мамалаах эдьиийим сарсыарда бараллар киэьээ кэлэллэр.Консультация5а сылдьаллар ин этэ.Лия сылдьар буо дьинэр ону мамам коридорга кэтэьэн олорор буолар уьу.Дьон бары подругалыылар ин дииллэр уьу))))мамам ункууьут буолан ырыган уо.сохраненнай этэ.
Эдьиийим ЯГУ-га уорэххэ киирэн бары наьаа уорбуппут буолаары буолан ФЭИга.Лия дьоллоннон котуон кыната эрэ суо5а.Биьи эмиэ уорэбит киэьээ ас-уол атылаьан бырааьынньыктыыр остуол тардан аьаары олорон мамабыт икки коробка таьааран туттартаан кээстэ.Арай арыйан корбуппуууут наьаа учугэй кыьыл комус сыапачка онто кулоннаах миэнэ С буква Лия генэ Л буква.Биьиэхэ ким да комус биэрэ илигэ мамабыт бу эьиги бастакы комустэргит диэбитэ.Ол киэьээ уьуон дьыбаанна хоонньоьон утуйбуппут урут кыра о5о сылдьан утуйарбыт курдук мамабыт ортотугар биьи икки оттугэр кууьан сытабыт.Инники олохпутун былаанныырбыт ол быыьыгар папабытын ахтан ылабыт.Наьаа муода биьи наьаа чувствительнай этибит бэйэ бэйэбитин таптыырбытын наар аьа5астык этэрбит -мама мин эйигин наьаа таптыыбын!оччоо мамам -комуспун Саинанабын эмиэ наьаа таптыыбын диэччи))))ол курдук эдьиийим мамабар мамам эдьиийбэр наар таптыылларын этэллэрэ.Ба5ар эрдэ тулаайах хааламмыт буолан буолуо аьара уйан этибит.Сорох о5олор тороппут ийэлэригэр да иннэ диэбэттэр ээ дьинэр....Мин санаабар киьи хаьан ба5ар таптыыр киьитигэр тапталын туьунан этиэхтээх уо.хаьан этиэххиний?...
Ол куьунугэр эдьиийим дьоллоох Дьокуускай куоракка уорэнэ барбыта.Биьи мамалыын иккиэн хаалбыппыт.Мин уорэнэбин мамам улэлиир эбии харчылаьаары тэрилтэргэ ункуу туруорар этэ.Оччолорго тэрилтэлэринэн концерт кордороллор типа курэхтэьии курдук онно мама тиийэн ункуу туруорар мин мамамабар комолоьор этим.Оннук сылдьан мамабар элбэх эр киьи хара5а хатанар этэ.
Этэрим курдук элбэх эр киьи мамабын собулуу короллоро.Ол эрэн мамабыт папабытын оссо да ахтара саныыра атын эр дьону корор туьунан санаабат да этэ.Иккиэн хаалбыппыт чункук ба5айы буолбута оробуллэргэ эдьиийим кэлэрэ онно биьиэхэ дьоро киэьээлэр ууннэллэрэ.Эдьиийим наар ахтарын туьунан этэрэ.Ол гынан баран куоракка наьаа учугэй диирэ.Уопсайга кыргыттарын кытта тапсан олороро.Барарыгар биьи мамалыын ас бо5о астаан ыытабыт.Мин наар сайыьа хааларым.
10 кыл.уорэнэ сырыттахпына оскуолалар киьини дэлби хаайаннар уьун суьуохха кытта5ын диэтилэр.Мин били быттана сылдьыбыт суьуо5ум тобукпун аьарбыт этэ))))онно бэлэмнэнии улугэрэ буоллубут.Талаан куонкурсугар биллэн туран ункулуохтээх этим.Мамам сахалыы ункуу туруорбута.Били эдьиийим банкетыгар кэппит платьетын кэтэн кэбистим вечерняй прическаны мамам онордо.Супсулгэн бо5обут сцена кэтэ5эр.Мамам миэхэ болейдаан бо5о.Онно мин 2-с миэстэ буолбутум.Приз сахалыы наьаа учугэй ытар5а биэртэрэ ону мин мамабар бэлэхтээбитим.Мамам билигин да ону кэтэр о5ом бэлэ5э диэн ааттыыр.Киэьээ дьиэбитигэр кэлэн чэйдии олорон мамабар этэбин-маа Саинкан быттаах батта5а эйиэхэ ытар5а онордо)))диибин.Мама ону этэр ---о5о бары быттанар комуьум диир.
Биирдэ ампаарбын хомуйа сылдьан биир улахан со5ус комодка кэтилинним.Арыйа баттаабытым ийэм бокуонньук маллара сыталлар эбит.Олорон эрэ саас сааьынан барытын сиьилии кордум.Хаьан эрэ о5о сылдьан сыттыыр танастарым, косметиката бааллара.Эмиэ сыттаатым сыта баар курдуга санаабар кууьан олорон туох эрэ атын ба5айы иэйи уьуктубута ийэм танаьын ынрык куускэ кууьан олорон харахпыттан уу эрэ таммалыыра.Ийэбин наьаа да аьыйбытым уйа-хайа суох ытаан киирэн барбытым.Ийэм миигин кото5о сылдьара харахпар костон кэлбитэ.Тоьо ор олорбутум буолла мамам кэлэн корон дьиэ5э киллэрбитэ.Мамабар ыбылы сыстан сытаммын наьаа ор ытаатым.Мамам тобобутэн имэрийэ имэрийэ ытаама комуьуом диэхтиирэ.Мин бэйэм ийэлээх а5абын аьыйан суох буолбуттарын дьэ ойдообут курдук этим.О5о сылдьан умна быьыытыйбым дьэ толо охсон харах уута буолан тахсыбыта.
Мин ийэлээх а5ам мин аанньалларым буолаллар онтон мамам мин тыыннаах танарам.Лиябыт биирдэ эрийэн соьутта бу оробуллэргэ уол билсиьиннэрэ тиийиэм диэн.Биьи мамалыын ууга-уокка тустубут.Дьиэбитин уборкалаатыбыт ас маанытын астаан дьоннорбутун кэтэьэ олордубут.Дьоммут тиийэн кэллилэр.Лия эдьиийим барахсан оссо тупсубукка дылы буолбут кини наьаа кыраьыабай ,кэнниттэн биир уол киирэн кэллэ.Уола урдук унуохтаах сырдык ис киирбэх дьуьуннээх.Эдьиийим билиьиннэртээтэ -билсэн кэбиьин бу мамам Лира Ивановна бу балтым Саина-диир-онтон бу Коля.Биьиги папабыт курдук Коля ден ааттаа5ыттан хайдах эрэ уордум.Уолбут саналаах-инэлээх сытыы-хотуу уол буолан биэрдэ, чэйдии олорон мамам тугунан дьарыктанарын туох дьонноо5ун хантан сылдьарын сураьар.Коля илин энэр сытар улуустан сылдьарын мамата папата улэлииллэрин бииргэ торообут 3эбит кини орто уол эбит,убайдаах уо.бырааттаах эбит.Эдьиийбин хайдах курдук таптыырын уо.кэргэн ылыан ба5арарын эттэ.Биьи мамалын соьуйан эрэ хааллыбыт.
Иннэ гынан эдьиийим кэргэн тахсар буолла.Ону ким да утарылаьа барбата.Анараа Коля да дьоно биьи да.Коля дьоно кэлэннэр илии тутуьан барбыттара сурдээх боростуой сэмэй саха ыала эбиттэр.Ким да эдэр баи сааскытыгар ыал буолан эрэ5ит диэн сэмэлээбэтилэр да5аны,куьун Коля дойдутугар сыбаайба онорор буоллубут.
Мин куьун эрэ буоларын куутэрим сыбаайба5а сылдьаары.Ол иннинэ сыбаайба диэннэ сылдьыбата5ым ээ.Куьуммут кууттэрбэккэ тийэн кэлбитэ.Биьи мамалыын куоракка эдьиийбэр платье ыла киирбиппит."Венец"ден свадебнай салонтан платье ылбыппыт обручалкаларын Коля дьоно ылан биэртэрэ.Дьэ уонна илин-энэр деки айанныы турбуппут.Сана аймахтарбыт биьигини уорэ кото корсубуттэрэ.Бастын ыалдьыт буолбуппут.Уоруулээх куммут ууммутэ.Киьи бо5о кэлбитэ мамам эдьиийбин таныннара туран папабыт баара буоллар диэхтээбитэ.Бары саната сох папабытын санаан олорбуппут.Остуолга кыыс оттугэр мин мамам уо.эдьиийм Даайа кэргэнинээн олорбуппут.Аймахтары билиьиннэриигэ Даайа туран биьигини билиьиннэрбитэ.Хайдах туох баарынан кэпсээбитэ....мамабар маннык учугэй кыргыттары иитэн таьаарда диэн махтал тылларын эппитэ.Мамам уйадыйан ылбыта...мустубут дьон учугэй баитык бары истибиттэрэ.Даайа уустаан уураннаан кэпсээбитэ.Дьоннор соьуйбуттара быьылаа5а ама олоххо маннык буолар дуо диэбиттии короллоро.Олоххо баар бо5о буолла5а дьи.Хайдах киьи барыта куьа5ан буолуой?!сахаларга да араас учугэй тыыннаах аанньаллар бааллар бо5о бо.Ол тыыннаах туоьута мин мамам буолар.Наьаа учугэй уруу киэьээтэ ааспыта.Мин онно Даайа5а наьаа махтана санаабытым мамабар махтанар эбит диэн.
Оннук уорэн котон дойдубутугар кэлбиппит.Мин 11кл.буолбутум ункуубун бырахпакка ункуулуур этим.Араас мероприятияларга кыттарым мамам куруук ойуур этэ.Эдьиийим аах куоракка олорон уорэнэллэрэ квартира снимайдыыллар этэ иккиэн студеннар буолан улэлээбэттэр.Мамам харчы ыытара оробуллэргэ кэллэхтэринэ ас-уол биэрэн ыытарбыт.Мамам аны уопсайга баар квартиратын атылаары гыммыта дьинэр ону сдавайдаан олорбуппут ээ.Ону атыылаан эдьиийм аахха квартира ылалларыгар комо оноруон ба5арара.Коля дьонун кытта субэлэьэн баран икки оттуттэн бырахсан Лиялаахха биир хостоох малосемейка ылбыттара.Улахан анаарын кнешна Коля дьоно уйуммуттара.Ол мин мамам о5обун туора харахтарынан корботуннэр диэн оннук гынна5а дьи.Иннэ гынан куоракка киирдэхпитинэ бэйэбит туьэр дьиэлээх буолбуппут.Мама куоракка киирдэххинэ эдьиийдээххин кытта олоруон диирэ.Барыта биьиги эрэ туспутугар буо.Эдьиийим мамабын кэргэн тахсыан ба5арара мин буолла5ына сох.Мамабын наьаа кунуулуурум.Атын эр киьи киирэн биьи дьиэбитигэр олоруон ба5арбат этим.
Мамам аах бииргэ торообут 2 кыргыттар эдьиийэ атын улууска олороро а5алара чугас дэриэбинэ5э баара.Мин а5абын кытта олус тапсаллара.Биьигини хаьан да туора хара5ынан корбото5о ол гынан баран биьи кинини хаьан да "эьээ"диэччибит суох, боростуойдук Уйбаан ден ааттырбыт.Сурдээх булчут о5онньор этэ,кини ынах иитэрэ биьи сайын баран оттоьорбут сир астыырбыт.Кыьын этинэн балыгынан хааччыйара.Биирдэ пенсиятын сыыьын мунньан миэхэ дубленка ылан уордубутэ.Сиэннэрим ден ааттааччы.А5ам олбутугэр наьаа аьыйбыта.Кутуотум барахсан суо5а куьа5ана сурдээх диэччи.Ийэлэрэ олбут уьу мин мамалаа5ым студенныы сырыттахтарына.
Оскуоланы бутэрэр сылбар мамам улаханнык ыалдьыбыта((((доброкачественная опухоль матки буолбута.Мамам куоракка уксун сылдьара обследования барара.Мин дьиэбэр бэйэм хаалбытым.Дьиэм иьэ уу чумпу иччитэхсийэн хаалбыта.Эдьиийим мамабын кордороро Колялыын тэннэ сылдьан.Мин балыаьа5а корсо барааччым уо.мамам иннигэр олорон ытаан барааччым..............балыаьаттан тахсан муммут кус о5отун курдук куорат устун хаамааччым.Хаьан да церковь диэннэ сылдьыбат бэйэм бастакыбын онно сылдьыбытым.Уорэхпэр да наадыйбат курдугум уруокпун торут аахпат буолбутум.Мамам оронугар сытаммын мамабын саныырым.Эпирэсийэлэнэр кунугэр куну быьа тобукпар олорон танара5а унпутум.Мамам эдьиийбэр наар этэрэ о5о5ун коро сырыт диэн.Мин аймахтарбар олоруохтаах этим ону син-биир дьиэбэр кэлэ турарым.Киэьээ утуйарбар уоппун барытын холбоон утуйарым.Эдьиийбэр хайдах эрэ кыыьыра саныырым миигин хаалларан онно Колятын кытта дьоллоох ба5айытык олороро буолуо диэн....аттыбар суо5уттан ньиэрбэм оонньуура.Эрийдэ5инэ мамам эрэ туьунан ыйытабын бэйэлэрин тустарынан оьоспор ыйыппат этим.Лия ону чувствуйдаан биирдэ тиийэн кэлбитэ миэхэ танас кэьиитин а5албыта ону мин куттаан коро да барбата5ым хоспор киирэн сыппытым.Эдьиийим киирэн таспар сыппыта оннук куустуьан сытан саната суох ытаспыппыт....онно дьэ тыыным тахсан хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолбутум.
Мамабытын аьынар аай этибит....то5о то5о то5о???????диэн наар бэйэм бэйэбиттэн ыйытарым.Кыьал5а урдугэр кыьал5а диэбиккэ дылы.Оскуола5а параллельнай кылаас кыргыттара харчы кордоон сордууллар этэ.Наьаа правильнайгын дии дии уо5эллэрэ пай девочка ден ааттыыллара.Остуйэн бо5о буолаллара соруйан гноби гынналара.Физкультурам танаьын барытын кырыйан кээспиттэр этэ....Кинилэр курдук буолбатахпын иьин кулуу гыналлара.Мин кыргыттарым миигин наар комускэьэр этилэр.Сотору сотору туалетка разборка бо5о буолааччылар.Биирдэ тобуктатан баран бырастыы кордос диэтилэр ону мин -туохха тугу гыммытым иьин?диибин.Ону просто так дииллэр.Ама да буолбутун иьин киьи киьини ата5астыыра табыллыбат суол.Мин мамам суох буолан миигин ата5астыыллар дии саныырым уо.мамам утуорэн тахсарын эрэ куутэрим.Мамам баар буолла5ына туох баар проблемам сутэн хаалыа дии саныырым...
Ол курдук оскуолабыттан дьиэбэр баран истим...
Оннук кун дьыл ааьан испитэ мамам сааьыары тахсыбыта.Мин мамам кэлэригэр ынрык бэлэмнэммитим дьиэм уотум ыраас,сылаас ас барыта мамабар эрэ анаан этэ.Мамам барахсан ырыган бэйэтэ оссо ырбыт этэ оссо мин санаабын кото5о сатаан бэьиэлэй буола сатыыра.Мин хомотумаары проблемабын кэпсээбэтэ5им.Кэлбитигэр дьэ оро тыынным.Мамам тоьо да оронно сыттар син биир дьыалата сох сыппат этэ миэхэ банкетпар кэтэр платьебын тигэ сыппыта.Аа дьуо уоскуйан урукку хахпар киирбитим били кыргыттар да доставайдаабат буолбуттара ити барыта мамам кэлэн ааста дии саныырым))))мама диэн наьаа да минньигэс учугэй тыл...киэьээ мамам хоонньугар киирэн сытарым мамам минньигэс сытын сыттыы сыттыы кыра о5о курдук))))
Экзаменнарбын туттарарым са5ана мамам лаппа учугэй буолбута.Миигин кытта уруок аахсар этэ.Лиялаах оробуллэригэр тахса тураллара.Миигин бары юридическайга киир дииллэрэ мин аттестаатпар биэс эрэ туоттээ5им уоннаа5ыта барыта биэс сыана этэ ону мин дууьам ункуугэ сытара.Оскуола5а сылдьан кыталык ункуутун толорорум билигин дойдубар бардахпына кыталык ункуутун ункуулуур кыыс диэн билэллэр.Оннук айалаах элбэхтэ ункуулээн бары онон эрэ билэллэрэ.))))мамам миигин ункуу дьикти абыланар угуйбута.Ункуу баар миэхэ бу кун сиригэр саамай кунду киьибин коруьуннэрбит ункуу баар суду куус дьикти абылан,музыка алыптаах долгунугар уйдаран сырдык сыана5а лыах курдук кото сылдьан ункуулээн дайарын.Бу баар этэ мин сурэхпэр ункуу эрэ ханнык да юридическай буотах.
Экзаменнарбын этэннэ туттаран банкеттаан оннук оскуолабын тумуктээбитим.Дьикти ба5айы оскуола5а киирэрбэр а5ам эрэ баара бутэрэрбэр мамам баара.Мамабын кытта абитуралыы киирдиибит куоракка.Мамабар ункуу уорэ5эр киириэхпин ба5арабын диибин ону мамам бастаан урдук уорэххэ туттарыс диэбитэ.Юрист буолуохпун олох ба5арбат этим ону мамам мед институтка биэрэн коруоххэ диэн докуменнарбын мед институтка биэрдибит.Соьуйуохпут иьин ал5аска киирэн.хаалбытым.Мамам -о5ом комуьум быраас буолуо!диирэ.
Оннук уорэххэ киирбиппиттэн бэйэм да соьуйбутум.Уорэн котон дьоллонон мамабынаан дьиэлээбиппит.Куьун куоракка киирэн уорэхпэр уорэнэн киирэн барбытым.Мамабыт барахсан бээтэ со5ото5ун хаалбыта.Мин тоьо да со5отохтуу хаалларыахпын ба5арбата5ым иьин мамам кууьунэн кэриэтэ ыыппыта.Эрдэ этиллибитин курдук эдьиийдээхпэр олоро киирбитим.Горького турар малосемейкаларга олорор этибит.Эдьиийим уо.кутуотум олох улахан дьон курдуктара арыгы табах диэни иккиэн олох утараллара.Оробуллэригэр мама5а тахсаллар либо библиотека5а бараллар...бэрээдэк дьон кинилэр бааллар,билинни о5олор курдук шоулаабаппыт хаталаабаппыт.Киэьээ бэрээдэктээх баитык эрдэ баи утуйан хаалабыт.Мин билигин эдьиийбэр махталым мунура суох.
Лия кэргэнинээн Колялыын уорэнэллэр мин эмиэ.Уьуон студеннарбыт.Биьиэхэ мамабыт харчы ыытара уо.стипендия ыларбыт.Коля дьоно кэлэ бара сылдьан ас биэрэллэрэ.Мин уорэхпин собулээбитим.Уорэнэргэ интириэьинэй баи этэ.Ол сылдьан сана табаарыс дьуогэ бо5о буоллум.Миигин сотору сотору торообут куннэ ыныраллар ону Лия ыытааччыта суо5а.Кини уопсайынан" -тууннэри сылдьыы кими да хаьан да учугэйгэ тириэрдибэтэ5э?"диэн принциптаа5а.Инник майгытын иьин Коля кинини таптаабыта буолуо дии саныыбын.Иккиэн туунун ханна да барааччылара суо5а.Соро5ор онно манна кэлиэхпин барыахпын ба5арарым оччоо эдьиийбиттэн кыра о5о курдук конуллэтэн барабын и то 10ч дылы сылдьабын.Подругаларым наьаа соьуйаллара хайдах инник конуллэтэ сылдьа5ын диэн эттин да баран хаал дииллэрэ.
Аны мамабын кытта кэпсэтэрбэр -мамаа мин эйигин таптыыбын!диэтэхпинэ эмиэ со5оллор этэ.Инник диир дьону коро иликпит диэччилэр.Мамабытын эдьиийгит дии санаабыппыт дииллэрэ.Куоракка учугэйэ сурдээх этэ ол гынан баран мамабын ахтаммын оробуллэрбэр дойдубар тазса турарым.Такситтан туьэрбэр мамам олбуорун таьыгар кэтэьэн турар буолааччы иккиэн ахтыспыт дьон быьыытынан куустуьан турарбыт онтон биирдэ дьиэбитигэр киирэрбит.Мама барахсан ас арааьын астаан тоьуйааччы уо.наар уолланнын дуо диэн ыйытара.Мин буолла5ына уолум суох этэ.Уолаттары олох корбот этим ким да мин сурэхпин сууйэ илигэ.Ону мамам билигин да эрдэ диирэ.Испэр саныырым Лия5а эрдэ буотах этэ дьи онтон миэхэ эрдэ уьу...
Мин били церковька сылдьар буолбутум диэн эппитим дьи онтубун тохтоппокко эрэ наар сылдьарым.Тоьо да крещенай буолбатарбын уоьээ суду куус баар диэн билэбин.Хас биирдии киьи аанньаллаах буолар дии саныыбын.Миэхэ да эйиэхэ да ол хаама сылдьар да киьиэхэ баар.Сана дьылы бары дойдубутугар тахсан сана дьыллыыр буолбуппут.Уьуон остуол тула олорон бэлэхтэрбитин бэрсибиппит.Ол кун Лия биьиэхэ кырачаан о5о куутэ сылдьарын эппитэ.Биьи мамалын долгуйуу бо5о.Биьи дьиэбит иьигэр кырачаан киьи кэлиэ миигин эдьиий диэн ааттыа онтон мамабын эбээ диэ5э диэн ол киэьээ торуу да илик племянникпын хаьан торуурун куутэн барбытым.))))Лия мин кинини уже таптаатым дии дии эдьиийим иьин имэрийэрим.Мамам эдьиийбин уорэххин бырахпаккын академ ылбаккын сиэммин бэйэм коруом диэбитэ.Лия токунуйэн бокунуйэн иьэ улаатан испитэ сессиятын сайын сабан мама буоларга бэлэмнэнэрэ.
Эдьиийим куоракка торообутэ.Биьи мама Коля буолан кыра уолбутугар танас сап баалнай орон олоппос араас кырачаанна наадалаах маллары ылбыппыт.Коля дьоно кэлбиттэрэ кинилэргэ бастакы сиэннэрэ биьиэхэ эмиэ.Икки массыынанан о5обутун таьаарбыппыт 2эбээтэ 1эьээтэ эдьиийэ ол аата мин буолан.О5обут наьааа наьааа кылачаан наьааа наьааа сладкай.Бу кун сиригэр кини эрэ баар курдуга.Олохпут барыта кини тула буолбута.Кыратык ытаата да бары ойон турарбыт.Мамам "эбээ"диэн урдук ааты сукпутэ.-бу кун сиригэр кэлбит эрэ киьи сиэн корбот!диирэ.Кырдьык оннук бу кун сиригэр сорохтор олохтон эдэр саастарыгар олон хаалаллар мин дьонум курдук сиэн минньигэьин билбэккэ бараахтыыллар.Мин мамам -мин сиэн корор дьоллоох эбээбин!диир.
Кутуотум Коля туьунан кэпсиир буоллахха.Кини уорэнэрин быыьыгар улэлиир этэ.Наьаа улэьит барахсан улэни эрэ оро тутара мин папабар кинини наьаа майгыннатабын.Эр киьи эр киьи курдук киэн ко5устээх кыраттан кыыьыран тымтыбат улэттэн толлон турбат.Кэргэнин о5олорун оро тутар.Коля миэхэ эмиэ биир чугас киьим буолар кини мин эдьиийбин тулаайах ин диэн ата5астаабакка бу куннэ диэри илдьэ кэллэ.
О5обут барахсан кунтэн кун улаатан иьэр,биьги кининэн эрэ олоробут))).Мамам сиэнигэр анаан танас арааьын тигэр.Лия куоракка киирбитигэр сиэнин короро.Куоракка кэллэхтэринэ о5обутун коляска5а бигээн парка5а куулэйдии барааччыбыт.Оннук саас барахсан сандааран кэлбитэ.Тула бары кыьынны тымныыттан уьуктубут курдук этэ.Мин сарсыарда биирдэ дьиэбиттэн тахсан уорэ5им диэки хааман истэхпинэ кэннибиттэн биир уол эккирэтэн кэллэ.-кыыс перчатка5ын туьэрбиккин!диэн баран перчаткабын уунна.Корбутум кырдьык мин перчаткаларым эбит.Баьыыбалаан баран бара турдум.Ол уолу сирэйин да ойдоон корботум.Онтон сарсынны кунугэр автобуска айаннаан истэхпинэ биир уол миигин коро коро мичээрдиир ону мин хайдахпын эрэ быьылаах диэн испэр саныыбын.Аны ол уолум мин остановкабар кэннибиттэн тустэ.ситэн кэлэн -привет Маша!диир ону мин -я не Маша!диэн хоруйдуубун....))))ону киьим-еще какая Маша!ты Маша растеряша)))))а кто вчера перчатки уронил?диэбитигэр биирдэ ол уол сылдьар эбит диэн ойдоотум.Оссо испэр саныы иьэбин нууччалыы эрэ санарар быьылаах диэн.Наьаа элбэх боппуруос биэрэр ин киьим арай -ты студентка?ты в этом районе живешь?а сколько тебе лет?мин ы а диэн соччо учугэйдик эппиэттээбэппин ин.Сирэйин ойдоон корбутум симпатичнай баи эбит уьун унуохтаах.Биир кэм иннибэр кэннибэр туьэ сылдьар айа5а хам буолбат.Ол кэннэ уулусса5а кордо5унэ ыраахтан далбаабытынан -привет Маша!диэбитинэн кэлэн кэпсэтэн барара.
Уолум аата Илья диэн эбит сахалаан нууччалаан санарар уол о5ото буолан биэрдэ.Бэйэм курдук тугу собулуу корбутун аьа5астык этэ сылдьара.Наьаа юмордаах бэьиэлэй баи киьичээн наар миигин куллэрэн тахсар.Мин дьиэм таьыгар олорор эбит ЯГУ-га уорэнэр улахан курска.Бээтэ куоракка торообут улааппыт о5о.Миигин дьээбэлээн этэр ол сарсыарда мин кинини корон баран таптаан кээспит уьубун уо.соруйан перчаткабын бырахпытпын ему ничего не оставалось делать перчатканы подбирайдаан эрэ ыларыгар тиийбит.Ону мин этэбин наьаа сложнай дьи оннук билсэр диибин.Наар бииргэ сылдьар буолбуппут.Киинэ кафе парка ити барыта биьи наар сылдьар миэстэлэрбит буолбуьтара.
Мин Ильялыын наьаа тапсар буолбуппут.Наар бииргэ сылдьабыт кинини санаатахпына сурэ5им нуолуйэрэ наар кинини эрэ санаан тахсарым.Ильям барахсан миэхэ наьаа кыьаллар.Мамам эдьиийим бары билэллэр этэ мин уоллаахпын.Билиьиннэр дииллэр этэ ону мин оссо да эрдэ дии саныырым.
Каникулбар дойдубар барбытым.Мамабын кытта сир астыыбыт сиэммитин корорбут.Мин Ильябын наьаа ахтарым киьим кун аайы эрийэр.Хаьан куьун буоларын куутэрим.Кини миигин син-биир дьээбэлээн Маша диэн ааттыр мин бастаан утарар этим онто кэлин наадыйбат буолбутум.Ол иьин иккис аатым Маша буолан хаалбыта.Биирдэ сир астаан дьиэбитигэр кэлбиппитигэр Ильям кэлэн олорор этэ ооо мин онно уордэхпин))))ол гынан баран мамабыттан кыбыстыбытым а5ай.Мамам наоборот наьаа уорбутэ Ильялыын сразу уопсай тыл булбуттара.Аны киэьээ утуйарбытыгар тус-туспа сытабыт....мин Ильялыын уураьар эрэ этибит хоонньоьуу туьунан мин ойбор суо5а арай Ильям араастык намектуур)))мин ойдообото5о буолар этим...
Ол сайын Илья биьэхэ сайылаабыта куьун иккиэн куоракка киирбиппит.Кини дьонун кытта билсибиппит.Дьоно куорат ыала миигин наьаа учугэйдик корсубуттэрэ ытыс урдугэр илдьэ сылдьаллара)))маматын кытта уопсай тыл булан истин дьуогэлэр буолбуппут.Тус туспа сылдьыман дииллэрэ онон мин Ильябар коьон тахсыбытым.Ильябын кытта ыаллар курдук олорон киирэн барбыппыт.Мин мамам Лиялаахха куоракка сиэнин короору коьон киирбитэ.Мин кун аайы мамабар киирэ турарым.Эдьиийим -мама со5отохсуйар кэргэн тахсара буоллар!диирэ.Кырдьык да бу санаатахха мамам барахсан бэйэтин тус оло5ун умнан наар биьиги туспутугар олорон кэлээхтээбит эбит.Атын чуочэ эбитэ буоллар папабыт олбутун кэннэ биьигиттэн аккаастанан атын киьиэхэ ойох тахсан о5о-уруу торотон уьаан-тэнийэн олоруо эбитэ буолуо......((((ону кини оннук гыммата5а кини атын суолунан барбакка биьигини талбыта.Мин урут хайдах курдук эгоисткалыырбын санаан кыбыстар этим.Чэ ол да буоллар мамам оссо да эдэр диэн оссо да кэргэн тахсыа диэн бээбин уоскутарым.Онтон мин Ильябынаан саас сыбайбалаан ньиргиппиппит.Сыбаайбабыт Чароитка буолбута элбэх ыалдьыттаах улахан уруу буолбута.Онно аймахтарым бары кэлбиттэрэ мамабар бары махтал тылын эппиттэрэ.Мамам барахсан икки кыыьын иккиэннэрин ойох биэртэлээбитэ уо.бээтэ со5отох хаалбыта...
Сайын буолбутугар сиэммитин Коля дьоно кэлэн илдьэ барбыттара.Иннэ гынан мамам иллэн бириэмэлэммитэ.Театрдарга выставкаларга сылдьара.Ыьыах буолбутугар дьуогэлэрин кытта ус-хатынна ыьыахтыы барбыттара.Онно сылдьан мамам бээтин кытта саастыы киьилиин билсэр.Ол киьитин кытта корсон киирэн бараллар.Аны онтун биьигиттэн кистээн бо5о буолаахтаата.Ханна бардын диэтэххэ наар дьуогэлэрбэр бардым диэн ааттыыр ,биьи болла5а сэрэйэн да корбоппут мамабыт ухажердаммытын))))).мамам билигин саныыр ээ-то5о эмиэ кистээбитим буолла -диэн.Тоьо ор кистии сылдьаахтыай бастаан эдьиийим аах билбиттэр.Миигин Лия подготовкалаан подготовкалаан баран биирдэ эппитэ.То5о эрэ бары миигин кыыьырыа дии санаабыттар этэ,дьинэр оннук да буолуон соп этэ аанньа буолуо дуо наар маматын хоонньугар утуйа сылдьыбыт кыыс араастаан кунуулээн боттоллон туруохпун син буо))))))эппиттэригэр кыыьырбата5ым эрээри кунуулээбитим но только испэр эрэ таспар биллэрбэтэ5им.Ба5ар кэргэннэнэн ин уоскуйбутум буолуо)))))
Ол киьи туьунан кэпсиир буоллаха мамам саастыыта киьи.Урут кэргэннэнэ сылдьыбыт 2о5олоох киьи ойо5ун кытта арахсыбыттара ырааппыт этэ.О5олоро оччолорго оскуола5а уорэнэллэрэ мин мамам буо уже сиэннээх этэ)))Ким да ол дьээдээни в штыки корсубэтэ5э ол эрэн кэлбитигэр уорбуппут диир кыах эмиэ сох.Аны кэлин билбиппит эдэр сааьыгар хаайыга олоро сылдьыбыт эбит.Бары биир тэн сыьыаннаьарбыт баар да баар.Бииргэ олорботтор эрээри наар корсоллор этэ.Ол киьи бииргэ олоруох диир ону мамам буолуммат этэ.Ол хаайыыга олорбутун иьин биьи бары с опаской сыьыаннаьар этибит...то5о эбитэ буолла доверия5а киирэ илигэ оччолорго...олоро сылдьыбыт дьонно оннук сыьыан баар ди уопсайынан.Ээ арба аатын эппэтэх.эбиппин дьи Алексей диэн кини.
Алексей серьезнай дьээдьэ ол эрэн биьи мамабыт иннигэр эдэр уол курдук суурэ сылдьара)))туораттан корорго кулуулээх ба болааччы.Кини тутуунан дьарыгырара.Кэлэ бара мамабын аьынан хааччыйара араас сыаналаах бэлэхтэри онороро.Мин мамам эр киьини умнубута ырааппыт чуочэ5э барыта сонун этэ)))эдэр кыыс курдук оностон баран свидания5а сылдьара.)))))мамам оннук сылдьарын корорго муода ба5айы этэ.Дьыл хонук диэбиккэ дылы 2 с.буолан баран мамам уо.Алексей холбоспуттара.Ол икки сыл иьигэр Алексейы биьи олох атын оттуттэн бэйэбитигэр арыйбыппыт.Биьиги улаатарбытыгар а5абыт суох буолан хаалан а5а тапталын умна быьыытыйбыт этибит.А5а курдук субэлээн -амалаан биэрэрэ,ыарахан тугэннэргэр бастакы уочарат кини суурэн кэлэрэ,аны киьи быьыытынан учугэйэ уо.саамай ордук учугэйэ диэн кини биьи мамабытын таптыыра.Сиэммит Алексейы сразу эьээ диэбитэ онтон билэргит курдук о5о куьа5ан киьиэхэ чугаьаабат.
Алексей урут наьаа арыгылыыр эбитэ уьу онтон сылтаан ойо5ун кытта арахсыбыттар этэ.Ол эрэн киьи буолар быата тардан ол куьа5ан дьаллыгын букатыннаахтык бырахпыт эбит.Мамам кэргэн тахсан баран оло5о тупсан мэктиэтигэр бээтигэр соп гына уойбута ин))))Иннэ гынан биьи уьуон утуу-субуу ойох тахсыбыппыт.Дойдубутугар сайын син-биир тахса турабыт.Улааппыт дьиэбит тураахтыыр санаабар хайдах эрэ кыччаан эргэрэн хаалбыт этэ.....а5ам,ийэм биьиэхэ анаан туппут дьиэлэрэ...хаьан эрэ бары олоруохпут дии санаан тутуммуттара буолуо...наьаа элбэх.мечтаалахтара буолуо....ол барыта туолбатах ыра санаа курдук хаалла5а дьи.Мама курдук киьиэхэ тубэьэн биьи дьиэбитигэр улааппыппыт,дьиэбит эрэ билэр биьи тоьолоох элбэхтэ ытаспыппытын...
Биир сыл Алексей кутуоттэрин кытта тиийэн дьиэбит таьын евро гына онорон кээспиттэрэ.Дьиэбит барахсан санатыгар туьэн хаалбыта.Мин бэйэм уорэхпин бутэрэн улэьит буолбутум Ильям эмиэ улэлиирэ.Лия 2-с уолун о5оломмута.Онтон мин бэйэм 3саастаах кыыстаахпын.Мамам хомойуох иьин сатаан о5оломмот били ыалдьа сылдьыбыта дьи.Ол эрэн Алексейдыын сиэннэриттэн куннэрэ ыйдара тахсар.О5олор бары кинини эьээ диэн ыныраллар онтон мин кыыьым аата Лира диэн ол мин мамабар мунура суох махталым тапталым бэлиэтэ буолар.Биьиги да олохпутугар араас барыта буолар наар биир кэм учугэй буолбат буо оннук тугэннэргэ эн таскар эйигин ойуур-ойдуур киьи баар буолара наадалаах.Дьоннор бары куьа5ан буотахтар учугэй дьоннор элбэхтэр ону эн ойдоон коруоххун эрэ наада.Мин маамам мама барахсаным мин тыыннаах аанньалым мин махталым киниэхэ мунура суох.Мин бу суруйуубар тороппуттэрим уо.мин туьунан суруйдум бэйэм личнай олохпун суруйа сатаабатым.Бастакы холонуум буолар онон наьаа баалааман ду....онтон эьиэхэ кунду аа5ааччыларбар ба5арыам этэ бэйэ бэйэ5итин харыстаьын,таптаьын,убаастаьын киьи оло5о диэн туннугунэн чыычаах котон ааьарын курдук!!! Мин ону кимнээ5эр да ордук билэбин...

Биир сыл Алексей кутуоттэрин кытта тиийэн дьиэбит таьын евро гына онорон кээспиттэрэ.Дьиэбит барахсан санатыгар туьэн хаалбыта.Мин бэйэм уорэхпин бутэрэн улэьит буолбутум Ильям эмиэ улэлиирэ.Лия 2-с уолун о5оломмута.Онтон мин бэйэм 3саастаах кыыстаахпын.Мамам хомойуох иьин сатаан о5оломмот били ыалдьа сылдьыбыта дьи.Ол эрэн Алексейдыын сиэннэриттэн куннэрэ ыйдара тахсар.О5олор бары кинини эьээ диэн ыныраллар онтон мин кыыьым аата Лира диэн ол мин мамабар мунура суох махталым тапталым бэлиэтэ буолар.Биьиги да олохпутугар араас барыта буолар наар биир кэм учугэй буолбат буо оннук тугэннэргэ эн таскар эйигин ойуур-ойдуур киьи баар буолара наадалаах.Дьоннор бары куьа5ан буотахтар учугэй дьоннор элбэхтэр ону эн ойдоон коруоххун эрэ наада.Мин маамам мама барахсаным мин тыыннаах аанньалым мин махталым киниэхэ мунура суох.Мин бу суруйуубар тороппуттэрим уо.мин туьунан суруйдум бэйэм личнай олохпун суруйа сатаабатым.Бастакы холонуум буолар онон наьаа баалааман ду....онтон эьиэхэ кунду аа5ааччыларбар ба5арыам этэ бэйэ бэйэ5итин харыстаьын,таптаьын,убаастаьын киьи оло5о диэн туннугунэн чыычаах котон ааьарын курдук!!!
Мин ону кимнээ5эр да ордук билэбин...