Кэпсээ
Войти Регистрация

Арыгыны хайдах бырахпытым туһунан кэпсиэхпин баҕарабын

Главная / Кэпсээ / Арыгыны хайдах бырахпытым туһунан кэпсиэхпин баҕарабын

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
31.10.2024 05:53
30k 2

An image to describe изображение сгенерировано Dalle 3 изображение сгенерировано Dalle 3

Автор: Тулуурдаах 13.05.2014 (21:47)

Биир сарсыарда өрүү буоларын курдук ыбылы өлөттөрөн уhугуннум.Төбөм иhэ хааhы да саламаат,тугу да сатаан толкуйдаабаппын,сүрэ5им субу ойон тахсыахтыы битигириир.Этим бүтүннүү,илиилиин-атахтыын сап-салыбырас,айа5ым иhэ кубус-кураанах.Биир эрэ санаа,арыгыга сиэппит мэйиим тобо5ор кыламныыр "абырахтаммыт"киhи,-диэн. Идэбинэн,кыайардыы ойохпун "абырах" ыллара ыытаары хаhыытаан көрдүм да,уу чуумпу.Бачча буорайа сытар киhиэхэ кыhаммакка,ханна дьөлө түспүт ба5айытай?Нэhиилэ оронон туран,онтон-мантан өйөнөн,куукуна диэки соhулуннум.Бай,ким да суох! Арай,сабыыта элэйэн бүтээхтээбит остуолга,чөкө ба5айытык со5отох кумаа5ы кылбайан сытар.Сурук эбит:"Биhиги бардыбыт,аны төннүбэппит". -Ээ,хаста сүүстэ бара сатаатын ини,сатаабатын ини.Төннүбэккэ5ин,ханна ырааппыт үһүгүөн.Кэлбэтэххинэ күүспүнэн да а5алар инибин,баччааҥҥа диэри син төнүннэрэн эрбитим.Улахаҥҥа уурбакка суругу кумалыы тутан муннук диэки элитэн кэбиспитим.Тэҥнэһиэм дуо,бэйэм абырах атыылаһа тахсарга күһэлинним.Бу кэмҥэ диэри ойо5ум барахсан "абырах" ыла сүүрээччи.Улаханы кыайбыт тойон өлөттөрөн,дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытааччыбын. Сап-салыбырас илиибинэн,Водкабын нэhиилэ арыйа баттааат,үрүүмкэ улахан ортотунан куттум да,кэтэрдэн кэбистим.Оо,Водка барахсан соро5ор алдьатар,соро5ор абырыыр да түгэннэрдээх.Бу киhи аатыттан тахсыбыт киhини тилиннэрдэ5э,бэртэх а5алла5а эчи бэрдин.Бэйэ эрэ, бэ5эhэ хайдах дьиэбэр кэллим этэй,ким а5албытай,бада5а айдааран эрэр курдугум? Арааһа ойохпун кырбаан эрэрим дуу? Ээ,чэ хайа да үөдэн буоллун,хата до5отторбун ыҥырыахха,тото-хана арыгылыахха... Ити күнтэн ыла баара суо5а 3-4 сыл ааспыта.Мин дьиэм харчытын сатаан төлөөбөккө үүрүллүбүтүм,күүстэринэн көһөрөн таhаарбыттара."Бомжатникка"кыракый квартира булан биэрбиттэрэ.Ол да миэхэ сөп курдуга.Мин "Туймаада"ма5аhыынынан,автовокзалынан,аэропордунан сылдьан,дьонтон харчы умналаhар "натуральнай бичкэ" кубулуйбутум.Быhатын эттэххэ,о5олорбун,ойохпун да ахтыбат,санаабат, буор иhээччи буолан хаалбытым.Төбөм туомугар биир эрэ санаа,хантан эмэ арыгы булан испит киhи,диэн баара.Ити курдук күн аайы,уhун сыллар усталара арыгы эрэ айдаана.Биирдэ бэриллэр олох,олох аатыттан тахсыбыта.Билигин саныырга олус да ыарахан эбит. Бу барыта,эмискэ диэххэ дуу, биир түгэҥҥэ тосту уларыйбыта... Ответить

Ответы и комментарии:

Свернуть дальше суруй хайдах аргыны бырахпыккын - дева 13.05.2014 (21:56) (85.26.241.5)

Салгыыта - Тулуурдаах 13.05.2014 (23:31) (94.245.134.59) Мин бу "бомжатник" дьиэ5э,быыкаайык хоско олорбутум лоп-бааччы уон сыла туолбут күнэ үүммүтэ.Ол күнү мин билигин да чопчу өйдүүбүн. Төрөппүттэрбиттэн хаалбыт,эдэр сааhым ааспыт,түөрт хостоох дьиэбин былдьатымаары,итирик да буолларбын,ыбылы хатанан,кими да киллэрбэт санаалаах оҥостон сыппытым.Оччолорго икки хос тимир аан диэн суох буолла5а,милииссийэлэр холкутук то5о анньан киирбиттэрэ,итирикпин көрөөт да,умса анньан илдьэ бара турбуттара.Уон биэс күн КПЗ-га хаайан кэбиспиттэрэ.Суутунан,сокуонунан дьиэбин былдьатта5ым ити.КПЗ-тан тахсаат да5аны дьиэбэр тиийбитим, хайыы сах атын дьон киирэн олороллор эбит.Мин арыгы гынан испит малым тобо5ун "саҥа дьиэбэр" көһөрө охсубуттар этэ. Буоларын курдук хантан эрэ харчы булан эмиэ арыгылаабытым уонна түүн "автопилоттаан" дьиэбэр тиийэн кэлэн тоҥсуйа сатыы турдахпына милииссийэлэр тиийэн кэллилэр.Саҥа хаhаайыны кытта тугу эрэ кэпсэтэр этилэр.Онтон миигин массыына5а тиэйэн илдьэн "бомжатникпар" төкүнүтэн кэбистилэр,эбиитин үнтү тэбиэлээн,кырбаан,муннубун тоһутан киhи аатыттан таhаарбыттара.Ити мин уолум төрөөбүт күнэ этэ.Ол иhин кытаанахтык төбөбөр хатанан хаалбыт. Бу дьиэ5э олорбутум уон сылын бэлиэтиир буолла5ым,диэн испэр күлэ санаатым.Бэ5эhээ онтон-мантан балай да харчы хомуйбутум.Сиэппиттэн таhааран аахпытым,балай да эбит.Хас да күн дьиэттэн быкпакка арыгылыырга тиийииhи.Сууммута-тарааммыта буолан баран,харчыбын сиэппэр уктан таhырдьа тахсаары оҥоhуннум.Ыскаап үрдүгэр турар хортуон хоруопка5а хара5ым хатана түстэ. Бэйэ эрэ итиннэ туох баар этэй?Олоппоhунан сал5анан,хоруопканы арыйан көрбүтүм,сэнэх со5ус куурка сууланан сытар эбит.Тыый,хайдах уон сыл устата арыйан көрбөтөх ба5айыбыный,диэн бэйэм бэйэбиттэн кэлэйдим.Ылан кэтэн кэбистим уонна ма5аhыын диэки ойдум. -Ты смотри,опять пришел.Я тебе больше в долг не дам,-диэн продавец мөҕө тоhуйда. -И не надо в долг,у меня много денег,-диэн баран кууркам сиэбиттэн,кумалыы тутан ойутан таhаарбытым кумаа5ы буолан хаалла. Продавец ата-ата күллэ.Бэйэм да5аны кумаа5ыны көрөн соhуйан,айахпын атан туран хааллым.Харчым бүтүннүү эргэ кууркам сиэбигэр хаалан хаалла5а.Туй-сиэ төннөр кыhал5а.Кумаа5ыбын кумалыы туппутунан төптөрү ыстанным,подъезка киирэн кумаа5ыбын муннук диэки элитэн кэбистим.Харчыбын ылаат да,таhырдьа ойон иhэн хортуон хоруопкабыттан иҥнэн умса баран түстүм.О5о таҥаhа ыhылла түстэ,киhи эрэ буолларбын эмискэ сүрэҕим "пыр"гына түстэ.Хаhан эрэ былыр умнуллан хаалбыт сатаан өйдөөбөт"чувством" сүрэхпинэн,быарбынан тилэри сүүрдэ. Ити курдук дөйөн,балай да өр олорон хааллым.Ол эрээри арыгы иhэр күүс баhыйда5а буолуо,та5ыстым.Киирэн иhэн бырахпыт кумаа5ыбын төптөрү ыллым.Төбөм тугу да буhарар кыа5а суох,кумаа5ыбын кумалыы туппутунан,үөрэнэн хаалбыт суолбунан, ма5аhыын диэки саллаҥнаан истим. Продавец кумаа5ы тута сылдьарбын көрө о5уста: -Опять с бумажкой,иди отсюда,а то сейчас морду набью. -Да нет,-диэн баран,харчыбын таhаардым уонна дьиктитэ диэн,-я возвращаю Вам долги,-диэтим.Харчыбын ууран баран,тугу да ылбакка тахсан бара турдум.Дьиэбэр тиийэн иhэн кумаа5ы тута сылдьарбын дьэ өйдөөтүм.Тэнитэн аахпытым:"Биhиги бардыбыт,аны төннүбэппит". авторга - авторга 13.05.2014 (23:33) (185.26.180.47) Кэпсээн суруйан ис базар ким эмит аазан аргыьыт киьи аргытын быразыа дии. Салгыыта - Тулуурдаах 14.05.2014 (00:04) (94.245.134.59) Дьиэбэр киирээт да,муоста5а "лах"гына олоро түстүм.Иннибэр хайа ыстаммыт хортуон хоруопка,быытыкаайык о5олорум таҥастара ыhыллан сыталлар,ойо5ум барахсан көбүс-көнө буочарынан суруйбут суруга тэнийэр.Киhи эрэ буолларбын дууhам тырытынна.Ол да буоллар арыгыга быhа сиэппит мэйиим тугу да сатаан тобулбат.То5о манныгый?Хайдах маннык олоххо тиийбиппиний? Толкуйдуу сатаатым да тугу да быhаарбатым.Олорбут оло5ум суох эбит,барыта биир кэм сиэрэй.Арай биири чопчу өйдөөбүтүм,арыгыны быра5ыахха,киhилии оло5у олоруохха.Киhилии олох диэн хайда5ын билбэтэрбин да,барытын саҥаттан саҥалыахха,диэн кытаанах санааны ылыммытым. Бу иннинэ хаста да эмтэтэ сылдьыбытым да5аны,бары арыгыhыттар курдук син-биир иhэн кэбиhэр этим.Эмтэтэр туhата суо5ун чуолкай билэбин.Ол түүнү быhа хайдах арыгыны быра5ар туhунан сыалай "стратегия" толкуйдаабытым. героизм курдук кэпсээмэ,тоьуннагын дит - м 14.05.2014 (00:45) (80.83.238.36) Атагастыыр дьонун бараннар.Бастаан туохтан аргыьыт буолбуккун кэпсээ,теьелеех ойоххун,оголоргун эчэпиккин.Хаьан эн курдуктары бырамтыы гыныллыбат саха акаарыта дьиикэйэ манна сытар коноору гыммыты тоттору тардыы - саркози 14.05.2014 (11:10) (79.133.86.235) хостоон таhааран сырай харах анньан киhи аатыттан ситэри аhарыы диэн бу буолар. Ойдоммуту коммуту бырастыы гынар диэн суо5а туохтан эбитэ буолла. сымыйаннан кемускээмэ,аргыьыт киьи диэни эккинэн хааннынан билбэтэх буолан харыстаабыт буолагыт - м 14.05.2014 (16:33) (80.83.238.36) Того эрэ оголорун,ойогун теье сордообутун,бэлэмнэ сылдьан дьахтарын теьелеех сордообутун санаабатаххыт. Кууьунэн еттейен,ессе арыгы ылларар эбит Кэргэнэ баран кэьэппэтэгэ буоллар,ессе кырбаан елеруе эбитэ буолуо Кэмсиммэтин хайаабатын,соруйан онорбут сыыьаларыгар толору эппиэттиэ 88 - 88 14.05.2014 (17:25) (46.48.176.228) Чэ туох улугэр саба тустугут син кэлин да буоллар ойдоото5о дии,киьиэхэ хайдах эрэ кыраттан да уларыйар тугэн баарын кордорон кэпсээн истэ5инэ ситэри аахпакка саба туьэ5итий суруйан буппутун кэннэ санаа5ытын игин уллэстин ээ. дьиннээх буппут аргыhыт диэн кытаанах суол буоларын эппинэн хааммынан - саркози 14.05.2014 (20:10) (79.133.86.235) билбит барахсаммын бу киhи барахсан ойун тобо5унан тугу иилэн ылбытын аах о5олорун кыракый эрдэхтэринээ5и танастара ой баар буолла5ына хараххар онорон кор кып-кырачаан танас (о5о сыта тулуурдаах син биир баар буолар эн ону да билбэт дууhа эбиккин)ойугэр киллэрэн эрдэ5инэ эн дууса таннары тарда сатыыгын тонун ону гыммытын маны онорбутун умуннун дуо диэн ордоотуурун хай5аммат суол дьиннээх буппут аргыhыт диэн кытаанах суол буоларын эппинэн хааммынан - саркози 14.05.2014 (20:10) (79.133.86.235) билбит барахсаммын бу киhи барахсан ойун тобо5унан тугу иилэн ылбытын аах о5олорун кыракый эрдэхтэринээ5и танастара ой баар буолла5ына хараххар онорон кор кып-кырачаан танас (о5о сыта тулуурдаах син биир баар буолар эн ону да билбэт дууhа эбиккин)ойугэр киллэрэн эрдэ5инэ эн дууса таннары тарда сатыыгын тонун ону гыммытын маны онорбутун умуннун дуо диэн ордоотуурун хай5аммат суол эмэһэҕин сыллаа сүөһү - автор 19.07.2014 (00:04) (91.185.252.1)

Салгыыта - Тулуурдаах 14.05.2014 (17:59) (94.245.134.59) Ол түүн харахпын кыратык да5аны симэн ылбатарбын,миэхээ дьикти сарсыарда үүммүтэ.Илиим-ата5ым салыбыраабат,төбөм ыалдьыбат,өлөттөрүү суох.Күһүҥҥү күн миигин э5эрдэлиирдии хоhум иhин тилэри тыган сырдаппыта.Кытаат диэбиттии мичээрдээн көрсүбүтэ.Бу күнтэн арыгыны утары охсуhуум са5аламмыта. Мин арыгыттан тэйэр "стратегиям" олус судургу этэ.Бастатан туран арыгыhыт буолбуппун дьиҥ чахчы билинии.Буор иhээччи сылдьан,дьонтон харчы умналаhа сылдьан,уулусса5а охтон сыттарбын да5аны,хаhан да арыгыhыппын дэммэт этим.Дьон бары иhэр,мин эмиэ иhэбин,диэн куоhурданарым.Манна диэн эттэххэ,арыгы иhээччи уонна алкоголизм ыарыытыгар ылларыы тус-туhунан буолар.Сорох дьон арыгыны иhэллэр,абырахтаналлар да5аны алкоголизм ыарыытыгар тиийбэккэ олохторун моҥууллар,үгүстэр суорума суолланаллар.Сорохтор бу алдьархайдаах ыарыыга ыллараллар.Алкоголизм диэн хаhан да эмтэммэт мэйии ыарыыта буоларын,атыннык эттэххэ "болезнь виртуальной реальности"буоларын билигин чопчу билэбин.Биллэн туран мин алкоголизм ыарыытыгар ылларбытым ырааппыт этэ.Сүрэх,быар,оhо5ос ыарыылара аахсылла да барыллыбат,барыта арыгы содула буолара биллэр.Эдэрбэр арыгы иhэн көрүлүү сылдьан, маннык ыарыыга ылларыам диэн санаан да көрбөт этим.Арыгыhыттары көрө-көрө сиргэнэрим,сэмэлиирим.Бу күн арыгыhыт буолбуппун,алкоголизм ыарыытыгар ылларбыппын билиммитим. Иккис хардыым "до5отторбуттан" тэйии.Арыгыhыт киhи хаhан ба5арар элбэх атастаах буолар.Ону үгүстэр өйдөөбөттөр,хаан-уруу айма5ынаа5ар чугас киhитин курдук саныыр.Чахчытынан көрдөххө биир өлүүгэ сылдьар сордоохтор буолла5а,арыгы эрэ силимниир.Мин дьиэм кыhыннары,сайыннары тобус толору киhи буолааччы.Бэлэм хата5а арыгыhыттар кутуллаллара сонун буолбата5а буолуо. До5оттортон тэйии,"күндү"астаах кэлбит дьону үүртэлээн ыытар кытаанах суол этэ.Бэ5эhээ эрэ биир остуолга олорон арыгылыыр атастарбын,сорохторун кырбаан,соро5ор кырбанан үүртэлиир буолбутум.Түүннэри субуутаан сүгүн утуппат да5аны этилэр.Маннык табыллыбатын,тулуйуо суохпун,ханнык эрэ түгэҥҥэ тиийэн син-биир иhэн кэбиhииhикпин өйдөөбүтүм.Хайдах гынан куотар санаа эмискэ күөрэйэн киирбитэ.Балыыhа.Маҥнайгы кэмҥэ,хайдах эрэ ыалдьан,балыыhа5а киирэн саhыахха.Кыаллар буолла5ына уhун со5ус кэмҥэ.Онно ба5ас атастарым тиийбэттэр ини. наьаа интэриэьинэйдик суруйа5ын. - наталья 14.05.2014 (18:16) (80.83.238.100) Баьаалыста дальше суруй. Куутуом . алкоголизм - доброжелатель 14.05.2014 (19:20) (37.29.88.202) Молодец что решился исправится всё таки есть чтото ещё не всё ещё пропил пиши дальше интересно читать хотя я сама не переношу алкоголиков но за тебя рада что встал на правильный путь так и держи родных найди может ещё не всё потеряно кытаатан суруй ону маны туойааччылары истимэ - саркози 14.05.2014 (20:14) (79.133.86.235)

суруй дальше - мин 14.05.2014 (20:25) (80.83.238.100) Ба5ар биир эмит киьи туьаныа дии саныыбын. Салгыыта - Тулуурдаах 14.05.2014 (20:53) (94.245.134.59) Хайдах гынан ыалдьыахпын сөбүн түүнү быhа толкуйдаабытым.Арыгыhыт киhи саамай кэбирэх сирэ быара буоларын бэркэ билэбин.Урут "саhарар"диэн быар ыарыыта баарын өйдүү түспүтүм,ол эбэтэр научнайдык эттэххэ гипатит А.Бу ыарыынан ыалдьыбыт дьон эмтэнэн үчүгэй буолаллара.Балыыhа5а хайаан да 45 күн сытыараллара. Сарсыарда эрдэ туран инфекционнай балыыhа диэки хаамтым.Барытын билиэххэ-көрүөххэ,үөрэтиэххэ диэн соруктаах.Киирэн туох да саҥата суох,кулгаах-харах буолан, көрүдүөргэ олорунан кэбистим.Ким да миэхээ кыhаммат.Маҥан халааттаах аанньаллар төптөрү-таары хаамсаллар,ону-маны кэпсэтэллэр.Мин барытын чуҥнаан истэ олордум,кэлин олох да дьиэтийэн хааллым.Туран кабинеттары өҥөйтөлөөн көрүтэлээтим.Ыарыhахтар биир-биир кэлэн, процедурнай кабинекка анализ туттаран бараллар.Ыйыталаhан билбитим эмиэ да дизентериянан ыалдьыбыт дьон,эмиэ да гипатитынан ыалдьыбыт дьон бааллар. Ол олордохпуна,суhал көмө быраастара биир нуучча о5отун өйөөн киллэрдилэр.Арааhа "приемнай" дэнэрэ дуу хайдах дуу,онно а5алан туттардылар. -Какой диагноз поставили? Диэн эдэркээн сиэстирэ кыыс ыйытар саҥата иhилиннэ.Мин кулгаа5ым чоройо түстэ. -Гипатит А,-диир суhал көмө дьахтара,таhырдьа тахсан иhэн. -Мальчик,а где твои родители,почему не пришли? Сиэстирэ ыйытар. -Я с интерната,-диэтэ да уол хотуолаан то5о барда,хотуота муоста5а ыhылла түстэ. Сиэстэрэ "фуу" дии-дии уолу сиэтэн,иhирдьэ диэки киирэ турдулар.Миигин туох тэhэ кэйбитэ эбитэ буолла,ойон турдум да,хотуону ытыспынан баhан ыллым уонна айахпар толору симинэн кэбистим.Дьэ ба5ам туолбут курдук сананан таhырдьаны былдьастым.Бу уол хотуота аhыыта сүрдээх этэ,барыта үөс буолла5а буолуо.Санаабар төбөбөр тахсан холуочуйбут курдук буолбутум. Онтон ыла хас да күн ааспыта,мин хаhан ыалдьарбын кэтэс да кэтэс.Балыыhа5а киирэн саhар ба5а хара баhаам этэ.Ол эрээри то5о эрэ олох саhарбаппын.Таhырдьа тымныйан барбыта,арыгыhыт атастарым сылаас дьиэ5э тардыhан субуутууллара үксээбитэ.Мин кими да киллэрбэппин,ааммын ыбылы хатанан сытабын.Соро5ор хас да күн дьиэбиттэн быкпакка,аhаабакка да5аны сытар буолбутум.Ас ылар харчы да суо5а.Күүскэ аччыктаатахха,куртаххар туох эмэ хапта5ай кытаана5ы ыбылы кэлгинэн кэбистэххэ, киhи аччыктаабыта соччо билээччитэ суох. Биир киэhээ ол курдук куртахпын ыбылы кэлгинэн сыттахпына эмиэ ааммын тоҥсуйдулар.Онтон тэбиэлээн бардылар. -Дядя Миша,открой это я пришел.Покушать Вам принесли и выпивон,-диэн,олох билбэт, эдэр киhим куолаhа иhилиннэ. Мин "покушать" диэни истэн буолуо,аамын тиийэн арыйбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым.Эдэркээн ба5айы икки нуучча уола уонна икки саха кыыhа киирэн кэллилэр.Биир уол миигин олох билэр курдук кэпсэтэр: -Здарова дяд Миш.О,как у тебя чисто,аккуратно стало видать женщина появилась.А признавайся дяд Миш. Дьэ уонна хаhаайыннаан киирэн барда.Остуолу тардан кэбистэ,хас да бытыылка пиибэни хороччу туруортаата.Хата астарын соччо сиэбэттэр.Уоллуун кыыстыын пиибэлэрин эрэ хантаталлар.Мин туох ханнык о5олор киирэн кэлбиттэрин билбэтэрбин да,астарын ба5ас харса суох хабыалаатым.Илиим пиибэ диэки бара турарын нэhиилэ туттунабын.Ол олорон биир кыыс,холуочуйан кылабачыйбыт хара5ынан мин диэки утары көрөн олорон уу сахалыы: -Дядя Миша,мин эйигин билэр эбиппин дии,-диэтэ. -Миигин давно ким да билбэт,эн ол хантан билиэххиний? -Мин Сенялыын детсадка биир группа5а сылдьыбытым дии,эн Сеняны киэhээ аайы ыла кэлэр этиҥ.Наар холуочук буолааччыгын,ол иhин өйдөөн хаалбыппын. -Ханнык Сеня?...Биир уолум аата Сеня диэн этэ дуу,дьэ өйдөөмүн айахха бэрдэрдим.Ол аата мин уолаттарым эмиэ бачча дьон буола хороhон улааттахтара.О5олорбун көрбөтөҕүм хайыы сах уон икки сыл буолбут эбит.Бу киэhээ холуочуйан хаалбыт кыыстан син элбэ5и сураhан билбитим.Улахан уолум уон алталаа5ын,кырам уон түөрдэ буолбутун,Толя диэн ааттаа5ын өйдөөбүтүм.Сеням куоракка интернат-оскуола5а олорон үөрэнэр,спортсмен эбит.

Салгыыта - Тулуурдаах 14.05.2014 (22:19) (94.245.134.59) О5олорбун ойуулаан көрө сатыыр идэлэммитим да5аны,сатаммат этэ.Бу диэн эттэххэ дьиҥэр а5а диэн чувство олох да суо5а,эбэтэр ханна эрэ ыраах мэйиим түгэ5эр хостоммокко,хатанан сытара эбитэ дуу.Ойо5ум мөссүөнүн да умнубут эбиппин.Саатар хаартыскалара суох этэ,эбэтэр итирэ-кутура сылдьан хайыта тыытан бырахпытым дуу.Итиччэ улаапыт о5олору хайдах көрсүөхпүн да билбэппин,кыбыстабын да буолла5а. Биир түүн о5олорбун,ойохпун оҥорон көрөн саныы сытан нухарыйан бардым.Ол сыттахпына киhи тардыалаата: -Чэ тур,бачча элбэх ыалдьыт кэлбитигэр утуйан бөскөйө сытыан дуо. -Ханнык ыалдьыттар,бачча түүннэри,-диэн туран кэллим.Кырдьык да5аны остуол тула киhи бөҕө олорор эбит.Арыгыларын хантатан иhэ-иhэ,быардарын тарбана-тарбана күлэллэр.Биир да билэр киhим суох.Хайдах киирдэхтэрэй,диэн муодур5аатым. -Хаhаайын,кэл олор,-диэн баран биир киhи арыгы кутан биэрдэ. -Ээ,испэппин,бырахпытым. -Оо,хара сордоох,биhигини эрэйдииргин билбэккин дуо? Олус да эрэйдээтиҥ,хата хабар5а5ын хайа тардыам,-диэн баран,барыта түү илиилээх киhи хабар5абар түстэ.Ороммор тиэрэ баттаан,харса суох муомахтаан барда. Мин бу киhи сирэйин уун-утары көрөн сытаммын,тыын былдьаhан хачымахтаhабын.Илиибин остуол диэки уунан кыптыый харбаан ыллым уонна харса суох түбэhиэхчэ саайталаабытынан бардым.Киhибин хас да сиринэн дьөлүтэ астым.Ол аспыт сирдэрбиттэн хаан буолбатах сүмэhин курдук ыhыллар.Кэмниэ кэнэ5эс киhим ыhыктан кэбистэ: -Айыа-айа,биhигини иэдэттиҥ дии,дууhабытын аймаатын.Саатар биир үрүүмкэ арыгыта иhиэххин,уоскуйуо этибит,-диэн баран киhим муоста5а сууллан түстэ уонна ытыы-ытыы,көрдөрбүтүнэн туран муостаны курдатыы тимирэн хаалла. Мин харбыалаhан тиийэн уоту холбуу биэрдим,остуол тула мустан олорор бүтүннүү түү дьон,тыыммакка да5аны бары миигин утары көрөн олороллор эбит.Мин кыптыыйбын утары ууммутунан: -Чугаhаан көрүҥ эрэ,барыгытын өлөртүөм!-Диэн сарылыыбын. -Мэйиим хампы бараары гынна-аа,иэдээн.Чэ барыах,бу киhи абырыа суох,-диэт да обургу со5ус кыайардара остуолбун хаба ортотунан хайа охсон кэбистэ уонна эмиэ муостаны курдаттыы тимирэн хаалла,атыттар бука бары кинини батыhан сүттүлэр.Мин оччолорго,саҥа арыгыттан тэйэ сылдьар киhи туох буолбутун хантан билиэм баарай? Түүл ини дии санаабытым,ол эрээри сарсыныгар да5аны,өйүүнүгэр да5аны остуолум силимнэнэн көнөн кэлбэтэ5э.Алдьаммытын курдук алдьанан сыппыта.Урутаан эттэххэ,бу барыта мэйии оонньуута.Мэйии өр кэм устата,үөрэнэн хаалбыт кэмигэр "виртуальнай реальноhыгар" киирбэккэ сырытта5ына "глюк" биэрэр эбит.Бу алкоголизмынан ыалдьыбыт дьоҥҥо характернай көстүү буолар.

Салгыыта - Тулуурдаах 15.05.2014 (00:21) (94.245.134.59) Кэмниэ кэнэ5эс мин "дьолбор" биир сарсыарда сэниэм эстэн,этим бүтүннүү суоhаан уhугуннум.Хата мин онтон олус диэн үөрдүм.Таҥнаат да,ыалларбар градусник көрдүү та5ыстым.Кыhыыта диэн ким да миэхэ аанын аhан биэрбэтэ.Саҥабын иhиттилэр да "суох","киэр буол" диэнтэн атыны туойбаттар.Үүрүллэ,мөҕүллэ,холдьо5улла үөрэнэн хаалбыт буоламмын ол аайы отой да кыhаммаппын.Тэҥнэhиэм дуо,балыыhа5а бардым. Хата үтүө санаалаах бырааска түбэhэн абыраммытым.Саhарардаабыт буолуохпун сөбүн атыннык,арыый тупсаран кэпсээтим.Быраас барытын истэн баран,анализ бөҕө анаата. -Дьиэ5эр баран сыт,гипатит буолла5ына суhал көмө кэлиэ5э,балыыhа5а илдьиэхтэрэ.Дьиэ5ин дезинфекциялыахтара,-диэтэ.Дьэ мин ол күн түннүгү манааччы буоллум.Суох.Ол күн суhал көмө сыта да биллибэтэ. Сарсыарда сэниэм олох эстибит этэ.Турар кыа5а суох сыттахпына ааммын тоҥсуйдулар.Нэhиилэ тиийэн,ыйыппакка да5аны арыйа баттаабытым,маҥан халааттаах аанньаллар тураллар эбит.Оо,ону көрөммүн үөрдэхпиэн. -Собирайтесь,поехали у Вас гепатит,-диэтилэр. Мин туох хомунарым кэлээхтиэй,элэйэн хаалбыт тиис суунар щеткабын сиэппэр угуннум да кэннилэриттэн батыhан тахсан бара турдум. Дьэ балыыhа диэн баар эбит ырай оло5о!Бэлэм ас-таҥас,талбыккынан аhыы-аhыы тиэрэ түһэн сыта5ын.Ким да эйигин мөхпөт-эппэт.Хата манна сытаммын а5ыйах хонук иhигэр биллэ уойан барбытым.Ыалдьан сытар киhиэхээ маарыннаабат гына күн тура-тура сирэйдиин-харахтыын тупсубутунан барбытым.Арай биир санаа баттыыр буолбута,күнүүлээн эбитэ дуу.Бииргэ сытар ыарыhахтарбар чугас дьоно кэлэн көрсөллөрө,аан нөҥүө да буоллар кэпсэтэн дуоhуйаллара.Минньигэс да сыттаах дьиэ аhын мин санаабар дэлэйдик таhаллара.Биллэн туран аска хааччах баар этэ,гепатит ыарыытыгар сорох ас көҥүллэммэт.Миэхээ эрэ ким да кэлбэт,ас таспат.Ону бииргэ сытар дьонум ыйыталаспаттар да5аны. Арай түүлээх дьонум наhаалыыр буолбуттара.Биирдэ күрүлүүр күнүс хаhыат уларсан,сүүһүөхтээн аа5а сыттахпына (аахпата5ым ырааппыт буолан сүһүөхтээн аа5ар буолан хаалбыт этим),биир киhи киирэн кэллэ: -Абытыый-абытай,-дии-дии сыгынньахтанан барда уонна миэхээ чопчу хааман кэллэ. -Төбөбүн тутан көр эрэ,мэйиим тэhэ бараары гынна.Сойута түспүт киhи. Мин хап-сабар ытыспын төбөтүгэр чугаhатан иhэн,суоhа бэрдиттэн сарылыы-сарылыы олоро биэрдим.Илиибин хамп-туппутунан ойон турдум,төптөрү таары хаамыталыы сылдьан: -Бар,б***** мантан.Сүтэн хаал,-диэн хаhыытыыбын. Ыарыhахтар то5о эрэ бары миигин көрөллөр,түүлээх киhи диэки ким да хайыhан да көрбөт. -Биир үрүүмкэ арыгы иhэ иликкинэ ханна да барыам суо5а,манна оронун анныгар сытыам,-диэн баран орон анныгар түһэн хаалла.Мин кырдьык-хордьук орон аннын өҥөйөн көрдүм,көстүбэт.Онтон илиим олох илэ хабыллан тахсыбыт этэ.Хайдах,туохха быhа охсубуппун сэттэ киhи тухары ким да өйдөөн көрбөтөх. Балыыhаттан тахсарым чугаhаан истэ5ин аайы арыгы иhиэх санаам күүһүрэн,баhыйан барбыта.Утуйар уум олох алдьаммыта.Түүннэри илэ хаама сылдьар буолбутум.Кыраттан ньиэрбинэйдээн тырыттан,дьону бэйэбиттэн тэйитэн кэбиспитим.Бу санааны хайдах эрэ баhыйар албас наада буолбута.Ону мин тобулбутум, ыарыыны ыарыынан эмтииргэ.Оччолорго "саhарарга" магнезия диэн эми тутталлара,баара суо5а биирдии луосканан күҥҥэ үстэ иhэрбит.Элбэ5и истэххэ "растройство желудка"буоларын кулгаа5ым кырыытынан истэн ааспыттаа5ым.Дьэ миэхээ ол эрэ наада буолла5а.Магнезияны үс лиитэрэлээх баанка5а толору кутан остуолга туруоран кэбиhэллэрэ.Сарсыарда дьон саҥа туран эрдэ5инэ мин кэлэ-бара сылдьан,ыстакааммар толору кутта-кутта иhэн бырдыр5аттым ээ.Хайыы сах баанката ортотунан эрэ хаалбытын көрөн сиэстэрэ кыыс дэлби соhуйбута,эбии кутан биэрбитэ.Өр өтөр буолбата5а иhим араастаан тыаhаан киирэн барбата ээ.Дьэ онтон икки-үс күнү быhа сыптарыйан бырдыр5атыы.Оннук сыптарыйа сылдьар киhи арыгы туhунан толкуйдуура лаппа а5ыйыыра чуолкай.Бу методы мин кэлин да5аны элбэхтик туттубутум.Арыгыга төннүөх кэриэтэ ис ыарыытын тулуйбут быдан ордук. арыгы абааьылаах дииллэр - м 15.05.2014 (00:59) (80.83.238.36) Онтулара сырыттахтара 88 - 88 15.05.2014 (12:33) (46.48.176.228) Оттон ити глюктуур кэмнэр, эйигин не нормальнай диэннэр, психушка5а ыыппатахтара да? тулуурдаах - доброжелатель 15.05.2014 (14:59) (37.29.88.62) Пиши дальше интересно а пр магнезию ещёинтересней может мужа брата вылечим молодец что решился бороться за себя за жизнь и за родных так держать духом не падать тулуурдаах - доброжелатель 15.05.2014 (18:50) (85.26.241.71) Ну где пропал чьё дальше не пишешь пиши дальше ауууу пиши жду дальше... - 123 15.05.2014 (14:32) (77.242.0.74)

Ессе кэтэьэбит - Сэнээрбит аа5ааччы 15.05.2014 (14:51) (80.83.238.20) Салгыыта баар дуо? Ессе кэтэьэбит - Сэнээрбит аа5ааччы 15.05.2014 (14:52) (80.83.238.20) Салгыыта баар дуо? Үтүө киэһээ,сахам дьоно. - Тулуурдаах 15.05.2014 (21:22) (80.73.83.14) Салгыытын сарсыҥҥаттан иллэҥсийдэхпинэ, хайаан да суруйан иhиэм. алкоголизм диэн ыарахан - иьээччи этим 16.05.2014 (00:31) (82.145.220.145) теье да ааспытын иьин инник глюк игин уже обычнай курдук болар этэ хаьан ба5арар иириэххэ сеп ону тулуйан арыгы эрэ иьимиэххэ наада утуйар диэн суо5а ыйы ыйдааан утуйбакка эрэй бе5е буолара аны арыгы диэни хаьан да испэтэрбин ханнык. кытаатан эдэр ыччаттар арыгын зло употребляйдыы сатааман дьон дьонно араастык дьайар . Тулуурдаах эккинэн хааннынан арыгы куьа5анын билбит киьи этэннэ сырыт , бу кэпсээннин дьэ сал5аар дьонно олоххо тардыьарга холобур буолуо этэ. арыгыны кускэ испит дьон ейдуехтэрэ уонна чел олох, кене суол устун айанныахтара олох араас очурдарын туораан ыарахатттарыттан ча5ыйбакка этэннэ сылдьыаххайын до5оттоор!!!

    • 88 16.05.2014 (12:08) (46.48.176.228) Кэтэьэбин а5ай суруйаар эрэ наьаа сутумэ,уонна уьун со5устук суруйаар. тулуурдаах - доброжелатель 16.05.2014 (14:56) (37.29.88.141) Тулуурдаах где пропал чьё дальше не пишешь что дальше то как твоя судьба сложилось пиши очень интересно что и как там всё кончилось Салгыыта - Тулуурдаах 16.05.2014 (18:23) (94.245.134.59) Биир сарсыарда сиэстэрэ кыыс палаатабытыгар киирэн кэллэ уонна хас да киhини араспаанньабытынан ааттаата,ол быыhыгар миигин эмиэ ааттаата: -Сарсын тахса5ыт,бэлэмнэниҥ,-диэн баран тахсан бара турда. Ааттаммыт дьон үөрэ-көтө түстүлэр,сорохтор о5олуу "ураа" диэн хаhыытастылар.Арай мин эрэ хомойон силбин эрэ быhа ыйыстан кэбистим.Аттыбар сытар киhи оронуттан ойон туран,миигин санныга таптайа-таптайа: -До5оор то5о үөрбэккин,көҥүлгэ тахсар буоллубут буолбаат,-диэн муус-маҥан,көбүс-көнө тиистэрэ кэчигирээтилэр. Туох үөрүүтэ кэлээхтиэй.Бэлэм астан,сымна5ас оронтон арахсыахпын ба5арбатарбын да5аны,кэмэ кэллэ5э.Ити курдук мин ырай кэриэтэ оло5ум түмүктэммитэ. Таhырдьа тыбыс-тымныы,ахсынньы ый аргыардаан турар этэ.Мин чараас кууркалаах,үтүлүгэ суох,күһүҥҥү бэргэhэлээх эрэ балыыhаттан тахсан барбытым.Ол да буоллар тоҥор диэни соччо билбэт этим.Арыгылыы сылдьан,тохсунньу тымныыларыгар уулусса5а охтон сыппытым үгүс буолла5а.Хата хайаан туохпун да үлүппэккэ бу сааспар диэри кэллэхпиний? Хайдах эрэ тоҥон,үлүйэн иhэн оруобуна кэмигэр уhуктан кэлээччибин.Төкүнүйэн да буоллар дьиэбэр тиийэн хаалбыт буолааччыбын.Арай биир эмэ түгэнигэр уhуктубакка утуйан хаалбыт буолуум...Дьэ иэдээн.Билигин саныы-саныы сүрэ5им ытырбахтыыр. Дьиэбэр киирээт да олоппоско олорунан кэбистим.Суохпуна күлүүспүн алдьатан киирэннэр,кимнээх эрэ арыгылаабыттар,кураанах бытыылка бөҕө төкүнүйэ сытар,астарын тобо5о аhыйан хаалбыта амырыын сыт муннубун саба биэрэр.Мин оннукка үөрэнэн хаалбыт буоламмын соччо кыhаммаппын.Хаста сүүстэ дьиэбин халаабыттара,ыспыттара-тохпуттара буолуой.Дьиэм да диэн буолуо дуо уон сыл бу дьиэ5э олорбутум тухары,хаhан да дьиэм дии санаабата5ым,сотору бэйэм дьиҥнээх дьиэбэр төннөр инибин диэн бигэ эрэнэрим.Сорох хоруопкалары бу тухары аhан да көрө илик эбиппин.Салгыы хайдах буолабын,тугу гынабын? Мин идэбинэн бытыылка хомуйа барардыы сананным,ону дьиэм иhиттэн саҥалаатым.Баар суох халыҥ таҥастарбын барытын булан таҥынным уонна эргэ рюкзакпын сүкпүтүнэн тахсан бардым.Ааммын хатыы да5аны сатаабатым,хатанара,күлүүhэ сүппүтэ быданнаабыт быhыылаа5а.Урут үктээбит ыллыкпынан помоялары,бөҕү-са5ы кэрийэ сылдьан,рюкзагым ыараабытыттан сибик**эххэ син балай да бултуйдум.Куруук сылдьар котельнайбар киирэн,кимниин да кэпсэтэ барбакка бытыылкаларбын сууйдум.Иhирдьэ диэки дьон саҥата,күлсэрэ тобус-толору,арыгылыы олороллоро саарба5а суох.Онтон сотору со5ус,курданарыгар диэри сыгынньах,бэркэ билэр киэбирбит киhим тахсан кэллэ.Оо,былчыҥнара эриллэн түһэн,то5о ба5ас бэрдэй: -Оо,Миха из барака,а ты че тут бесплатно посуду моешь,а ну давай заплати, "вонючка ея",-дии-дии ыган кэллэ.Урут мин дьиэбэр төhөлөөх элбэхтик арыгылаабыта биллибэт,ол тухары ба5арда5ын аайы кырбыыр этэ.Билигин онтукатын умнубата. -Денег нету,потом заплачу,-диэн эрдэхпинэ... -Тогда опять получай,-диэн баран,сутуругун күөрэтэн а5алан, сыҥаахха охсон түһэрдэ.Мин тиэрэ баран түстүм.Тыас-уус буолбутун истэн атастара тахсан кэллилэр.Оччо көрү көрөн туран көтүтүөхтэрэ дуо,үөрэ-көтө кыттыспытынан бардылар.Мин хаста сүүстэ кырбанан,ыарыыны тулуйарга балай да үөрүйэх буоламмын "бытыылкаларбын эрэ алдьаппаталлар" диэн харыhыйа сыттым.Дуоhуйуохтарыгар диэри тэбиэлээтилэр,охсуолаатылар.Кэмниэ кэнэ5эс быhыыта хал буоллулар,остуолларын диэки сүөдэҥнэстилэр.Мин онон туhанан,рюкзакпын харбаан ыллым да таhырдьаны былдьастым.Таhырдьа тымныыта бэрт буолан буолла5а,ба5айылар эккирэтэ да барбатылар.Эккирэтэн да диэн миигиттэн туохпун былдьаары эккирэтиэхтэрэй.Эдэр дьон,ыччат удардарын отработкалаан,биhиги курдук "биичтэри" туох да сылта5а суох груша оҥостоллорун бэркэ билэбин. "-До5оор то5о үөрбэккин,көҥүлгэ тахсар буоллубут буолбаат,"-диэбит муус-маҥан,көбүс-көнө тиистээх киhини саныы түстүм.Бу баар көҥүлүн,кимиэхэ үөрүү,кимиэхэ кыhал5а.Кыhыйан абара-абара ма5аhыыҥҥа тиийэн бытыылкаларбын туттардым уонна тута биир бытыылка водка ылан дьиэм диэки тэллэҥнээтим.Сыҥаа5ым,ойо5осторум ыарыыта сүрдээх,бэргэhэм иhэ сып-сылаас хаан оҥуолуура чуолкай.Ба5айылар син балай да эчэппиттэр. Дьиэбэр тиийэн бытыылкабын остуолга туруоран иhэн,дьэ өйдөнө түстүм... "туй сиэ" ас ылыахтаах этим дии,ас ылыахтаахпын,-дии-дии бэргэhэм туомунан сирэйбин саба туттан абабыттан о5олуу ытаан бардым.Хаарыан харчым,күннээ5и көлөһүнүм таах хаалла5а.Эмиэ аччык хонор кыhал5а.

оо дьэ .наьаа аьынным. - тамара 16.05.2014 (19:42) (80.83.239.66) Оттон биир да айма5ын суох дуо?испэт киьини син олордуо этилэр буо. Салгыыта - Тулуурдаах 16.05.2014 (21:35) (94.245.134.59) Ити курдук күн аайы бытыылка хомуйан,соро5ор умналаhан,онтон-мантан син харчыланан Саҥа дьыл үүнэр түүнүгэр этэҥҥэ диэхпин тылым тахсыбат, тыыннаах эрэ тиийэн кэлбитим.Балыыhа5а сытан биллэ уойбутум ханан да суох буолбута.Эмиэ дьүүдьэйэн,хаста эмэ кырбанан сирэй-харах буорайбыта,бэйэтэ да а5ыйах ахсааннаах хаалбыт тииhим бараммыта.Ол эрээри дьиктитэ диэн быарым ыарыыта биирдэ да моhуоктаабата5а,бэргээбэтэ5э.Кырбаныы,аччыктааhын,ыарыы игин диэхтээн,ити барыта олох бытархайдара.Барытын тулуйуохха сөп.Сүрүн кыайыым,киэҥ туттуум диэн түөрт ый кыраам да арыгыны испэккэ сылдьыбытым буолла5а! Биир күн эмиэ автовокзал диэки хаамтым.Саҥа дьыл иннинэ дьоҥҥо то5о эрэ үтүө санаалара киирээччи.Дэлэй со5устук харчы биэрээччилэр.Ону туhанан хаалыахха наада этэ.Мин киирэр аан таhыгар, хаhыат тэлгэнэн олорунан кэбистим.Дьон быыстала суох төптөрү-таары барар кэлэр.Сорох сэмэлээн,мөҕөн-этэн ааhар,сорох аhыммыттыы көрөр.Биир эмэ киhи сиргэммиттии ыраахтан харчы быра5ан ааhар,ол аайы мин тоҥхоҥноон махтанан иhэбин. Ол олордохпуна биир о5онньор чуо миэхээ хааман тиийэн кэллэ,тайах маhынан оройбун тоҥсуйа-тоҥсуйа: -Бу бачча эдэр киhи эрээригин кыбыстыбакка харчы умналаhа олоро5ун.Бачча үчүгэй эйэлээх үйэ5э үлэ булан үлэлиэххин.Ол буолла5а дьол диэн.Ойохтонор,о5олонор да сааhын куота илик быhыылаах бада5а,-диэн баран сиргэ силлээт ааhа турда. Мин киhи аатыттан ааhан,кыбыстар диэни умнубутум ыраапыт бэйэлээх,эмискэ ба5айы сирэйим кытар гына түстэ.Сиргэ тимириэхпин сирим кытаанах буолан биэрдэ.Үлэ.Кырдьык да5аны бу сааспар диэри үлэ эрэ туhунан толкуйдаабакка сылдьыбыт сордоох эбиппин.Ити тыллар кэнниттэн манна хороллон олоруохпун хайдах эрэ санаам буолбата.Хомунан тахсан бардым. Саҥа дьыл.Дьон бары бырааhынньыктаан,үөрэ-көтө сылдьаллар.Көрүдүөрнэй системалаах подъезпыт иhигэр күлсүү-салсыы.Ыаллар бэйэ-бэйэлэрин тоҥсуйан киирэннэр э5эрдэлэhэллэр,сыллаhаллар-уураhаллар.Арай мин ааммын ким да тоҥсуйбат.Эмиэ да оннуга ордук курдук.Мин сууланан баран сытабын.Бырааhынньыктыахпын аhым олус а5ыйах,хас да күҥҥэ үллэрэн кэмчилээн аhыыбын.Сотору со5ус көрүдүөргэ гитараннан до5уhуоллатан,байаан тыаhаан барда.То5о ба5ас кэрэтэй,байаан тыаhа барахсан.Мин урут эмиэ байаанныр этим ээ.Сыбаайбаларга,үбүлүөйдэргэ холуочуйан баран араас ырыалары тардан дьирилэтэн биэрэрим,дьон биhирэбилин ылар да буоларым.Сытан истэ сатаан баран тулуйбатым,оргууй үөмэн көрүдүөргэ быктым. Дьэ манна эбит үөрүү-көтүү,чүмэчи уотун сырдыгар үҥкүүлээн битийии.Уот барбыт эбит,ол иhин олохтоохтор бары көрүдүөргэ тахсыбыттар.Бөппүрүөскэтин туора уобан,сааhыра барбыт хатыҥыр киhи,хара5ын быhа симэн байаанын тарда олорор эбит.Аттыгар эдэрчэ уол истиэнэ5э өйөнөн, гитараннан до5уhуоллуур.Үҥкүүлүү сылдьар дьон быыстарынан кинилэргэ тиийэн,саҥата суох аттыларыгар истэн турдум.Икки-үс ырыаны таhааран баран "маэстробыт":

  • Перерыв,товарищи,- диэн биллэрдэ. -Можно я побрянкаю,пока перерыв,-диэбиппин кулгаа5ым эрэ истэн хаалла. -С Новым годом,Миша.Конечно,-диэтэ.Бу түүн дьон бары үтүө санаалаах буолан хаалбыттара то5о ба5ас үчүгэйэй. Мин байааны ылан сүгэн кэбистим,санаабар хайдах эрэ бэ5эhээ эрэ санныбыттан устан уурбут курдукпун.Бастаан нууччалыы мелодияны оонньоотум.Онтон уубар-хаарбар киирэн "Синий платочектан","Случайный вальстан" саҥалаан,Валерий Ноев ырыаларыгар тиийэ нууччалыы,сахалыы ырыалары ыллаан киирэн бардым,ол быыhыгар гитараланан Джо Дассен ырыаларын кыбыттым.Сорох ырыаларбын дьон чуумпуран туран иhиттилэр,соро5ор үҥкүүлээтилэр."Браво"дии-дии үгүстүк ытыстарын таhыннылар.Ити курдук сарсыардааҥҥа диэри дууhам дуоhуйуор диэри ыллаан-туойан дьиэбэр киирдим.Бу түүн уон сыл устата биирдэ да айах атан кэпсэппэтэх ыалларбын кытта саҥа билистим.Араас идэлээх,үөрэхтээх дьону кытта бииргэ олорорбун биллим.Сорохтор үлэ булан биэрэргэ көмөлөһүөх да курдук буоллулар.Дьон-сэргэ ортотугар сылдьар,кэпсэтэр-ипсэтэр үчүгэй да эбит. суруйан ис,сороххо уэрэх буолуо - Тоже мать 16.05.2014 (22:43) (80.83.239.91) Бэрткэ суруйа5ын наьа ушейдик суруйа5ын. - я 16.05.2014 (23:40) (80.83.239.63)

    ооо барахсаны даа - Тома 17.05.2014 (00:12) (37.29.88.15) Наьаа да аьынным мэктиэтигэр киинэ курдук ойуулаан кэрдум. Бу эн курдук олохтоох дьон биьиги кэккэбитигэр билигин да тобус толору. Кытааат итинник киьи аатыттан тахсан баран кэнэ суолга турбуккун аагыахпын багарабын. На ошибках учатся диэннэ ологуран Туран багар биир эимит киьи суолун тосту уларытыан диэн Туран кэпсээнин салгыытын кэтэьэбин. Грамотнай багайытык суруйагын бука сэрэдэххэ эйдээх багайы киьи сыыьа суолу талан иьэн эйдэммут боллаххына ис сурэхпиттэн уэрэбин. Кытаат кытаанах санааны Саха уола. Салгыыта - Тулуурдаах 17.05.2014 (00:08) (94.245.134.59) Саҥа дьыл кэнниттэн,ыалларым дорооболоhор,кыралаан кэпсэтэр да буолбуттара.Гитаара5а до5уhуоллабыт эдэр уол аата Витя диэн эбит.Миэхээ киирэн араас ырыалары үөрэтэрэ,хайдах ылланарын чочуйара үксээбитэ.Биирдэ эмиэ ол курдук ыллыы олордохпуна уол ийэтэ киирэн кэлбитэ: -Чэ о5олоор тахсан чэйдиэ5ин,ыксаан ас сойон хаалыа,-диэн соhутта. Оо,оччолорго мин санаабар кинилэр астара элбэ5иэн,дьиэлэрэ ырааhыан,барыта орун оннугар.Витя ийэтинээн иккиэйэ5ин бу квартираны куоптаннаан олорбуттара хаhыс да сыллара эбит.Мин дьиэм кириттэн-ха5ыттан,тугум да суо5уттан кыбыhынным да5аны.Мантан ыла дьиэбин хомунар,сууйар-тарыыр киhилии олорор бигэ санааламмытым.Былааммын уhаппакка-кэҥэппэккэ олоххо киллэрэн бардым.Бөҕү- сыыhы барытын хомуйан бырахпытым,арай о5олорум кыра эрдэ5инээ5и таҥастарын ханна гыныахын булбата5ым.Хайдах хоруопка5а симиллэн миэхээ кэлэн хаалбыттарын да өйдөөбөппүн.Биир ползуногу ылан сыттаан көрбүтүм,санаабар о5олорум сыттара кэлэр курдук,ол эрээри хайдах да5аны о5олорбун харахпар сатаан ойуулаан көрбөппүн,хайдах эбиттэрин олох өйдөөбөппүн.Киэhээ хойуккааҥҥа диэри дьиэбин хомунан,улаханы кыайбыт курдук сананан,ороммор тиэрэ түһэн сыппытым.Оннук сыппытынан нухарыйан эрэрим.Хоруопкам дьиэ ортотугар туран хаалбыта. Дьон кэпсэтэр саҥалара иhиллибитигэр соhуйан ороммор олоро биэрбитим,тэйиччи со5ус хас да киhи турар эбит.Мин хоруопкабын хасыhаллар,санаабар үллэстэр курдуктар.Саамай күндү малбын былдьатан эрэр киhи ойон турдум: -Тыытан көрүҥ эрэ,ити барыта миэнэ. -Ээ,турдуҥ дуо? Бу бытыылка5ын арыйан биэр эрэ,сатаан арыйымаары гынныбыт. Били урут ас оннугар ал5ас атыылаhан кэбиспит водкабын биирдэстэрэ мин диэки уунар. Мин хоруопкабын эрэ тыыппаталлар ханнык диэн бытыылканы хаба тардан ылан,онон-манан хаалбыт тиистэрбинэн түhэн арыйан биэрдим,айахпар арыгы амтана аҥылыс гынна.Онтон сиргэммиттии,туора-маары силлии-силлии: -Бытыылканы ылыҥ уонна киэр буолун,хоруопканы тыытымаҥ,-диибин. -Ээ,үүрүмэ до5оор.Бу көр эрэ эйиэхээ быа бэлэмнээтибит,бу олоппоско сал5анан тахсан моонньугар кэт эрэ. Мин то5о эрэ эппиттэрин барытын толорон иhэбин,быаны ылан кэтээппин кытары олоппоhу түҥнэри тэбэн кэбистилэр.Хата икки тарба5ым быа5а кыбыллан хаалла,онон быаны тарда-тарда,тыын ыла сатаан биэтэҥнии турабын.Дьонум бука бары уоттаах харахтарынан мин диэки утары көрөн турдулар: -Уу,сордоох,кыайар,өлөн быстыа суох,чэ бара охсуохха,-диэн эрэллэрэ.Онтон эмискэ нууччалыы,сахалыы маатыра кутулла түспүтэ.Икки күлүк иннибэр-кэннибэр түһэр курдуктара,сирэйбин таhыйан биллиргэтэллэрэ.Мин ойон туран ол дьону уҥа-хаҥас дайбаабытынан бардым. -Бэйэ уоскуй,Михаил,уоскуй!Биир киhи уолукпуттан тутан сахсыйталыыр. -Пахай! Олох да горячкалаабыт киhи эбит батта,хайдах ыллатаары гына5ын маннык киhини. -Бэйэ тохтоо,мээнэ тыллаhыма! Уоскуйа түстүн. -Сирэйэ-хара5а дьаабы дии,тиис-уос бараммыт киhитэ.Натуральнай бииhи сыана5а таhаараары гына5ын дуо?Короче провал буолбут.Явно провал. Мин тугу кэпсэтэллэрин соччо өйдөөбөтөрбүн да,бу дьонтон биирэ илэ чахчы быа тута сылдьара,остуолга аhыллыбыт тобус-толору водка турара.О5олорум таҥастара дьиэ биир муннугар ыhыллан сыталлара. -Мин диэки көр эрэ убаайкаа,-диэн баран,холку со5ус киhитэ сыҥаахпыттан тутан бэйэтин диэки эрийэ тарта.Үөрэтэ одуулаата уонна,-Батта5ын кырыйан сууйан-тараан,гримнээн биэрдэххэ син барсыах курдук. -Короче идея баар.Убаайка таҥын,биhигини кытта барса5ын. Өйдөтөр да бокуой биэрбэккэ сыыhа-халты таҥыннаран,массыыналарыгар умса анньан кэбистилэр.Урут милииссийэлэр да маннык куруубайдык талкайдаабат буолар этилэр. Дворец культуры кэллибит,биир хоско киллэрэн олордон кэбистилэр,"кэтэс" диэн буолла.Сотору магнитофоннаах хас да уол киирэн кэллилэр. -Убаайкаа,өйдөөн иhит эн оруобуна бу куолаhынан ыллыахтаахын,сыыhыан да башка прощай,-диэтилэр.Бэркэ билэр ырыабын холбоотулар.Сотору араардылар: -Чэ ыллаа,-диэн буолла.Мин ыллаатым,ыллаан истэ5им аайы уолаттар харахтара умайан,үөрбүттэрин сатаан туттуммакка, ытыстарын охсуна-охсуна,о5олуу эккирээн,бэйэ бэйэлэрин кытта куустуhан э5эрдэлэhэн бардылар. -Срочно записка,-дэспиттэрэ. Ити курдук хас да ырыаны запистаатылар.Оччолорго фонограмманнан ыллааhын саҥа киэҥник тар5анан эрэр кэмэ этэ.Билигин санаатахха ханнык эрэ кэнсиэри дублердаан өрүһүйбүт буолуохпун сөп курдук.Чэ ити хааллын. Ыллаан бүтэрбин кытары уолаттар кутулла түстүлэр.Биир уол кууhан ылла: -Убаайка,махтал.Иэдээнтэн быыhаабыккын бэйэн да билбэккэ тура5ын.Ол эрээри сытын ынырыга бэрт эбит. Уолаттар тугу эрэ сүбэлэстилэр,онтон биир уол: -Мэ убаайкаа,-диэн баран ботточчу со5ус харчыны туттаран кэбистэ. -Короче эн биhигини билбэккин,биhиги эйигин билбэппит,дьиэлээн хаал,-диэн буолла. Ити мин маҥнайгы "хамнаhым" этэ

    авторга - Mariya 17.05.2014 (00:19) (85.26.241.9) Аахта5ым аайы сибиэьэй салгыны э5эрийбиччэ курдук буолабын, наьаа учугэйдик суруйа5ын))) суруйан ис баьаалыста. - кыыс 17.05.2014 (09:54) (80.83.239.66) Наьаа интэриэьинэй дии. Кэтэбиииит - Катя 17.05.2014 (10:15) (82.145.221.145)

    тулуурдаах - ньукулай 17.05.2014 (18:08) (82.145.222.241) ханна сүттүн үчүгэй баҕайы кэпсээн суруйан ис ап - ап 17.05.2014 (19:33) (82.145.220.250) Кэтэ4эбит суруйаргын. тулуурдаах - ольга 17.05.2014 (19:39) (188.244.185.68) Михаил суруйан иьиэн дуо. Кэтэьэбин а5ай кытаат тулурдах Михаил, олох сериал курдук кэтэьэбит )))) - мин 17.05.2014 (20:05) (80.83.238.104)

    хайа кэтэьэбит,суруйан ис кытаат - Тоже мать 17.05.2014 (20:18) (80.83.239.20)

    Эмиэ бутэн хаалла дии - Туяра 17.05.2014 (20:33) (85.26.241.113) Салгыытын куутэбит :) Жду с нетерпением:) - Аа5ааччы 18.05.2014 (00:37) (185.26.180.50)

    Тулуурдаах - Сардана 18.05.2014 (00:41) (54.244.60.104) Жду. суруйаачыбыт - читатель 18.05.2014 (01:05) (217.118.64.50) Кустуу барбыт быһылаах Салгыыта - Тулуурдаах 18.05.2014 (11:57) (94.245.134.59) Урут миэхээ харчы уонна арыгы биир өйдөбүллээх, биир ситимнээх курдуга.Харчыланным да5аны хайаан да арыгылыырым,арыгылаатым да5аны харчы көрдүү барарым.Билигин иннибэр бу үйэ5э харахтаан көрбөтөх баhаам элбэх харчы тэлгэнэн сытар,ас арааhа,амтаннаа5а остуолбар тобус-толору,аhыллыбыт водка бытыылката "мин а5ай" диэбиттии,хоройуо5унан хоройон,киэбирэн мөтөллө турар.Мин эмискэ сытыйа байан хааламмын туохтан саҥалыахпын билбэккэ сап-сал5алас буолан хаалбытым.Төбөм иhигэр араас санаалар охсуhан барбыттара.Бачча ситиhиилээх күнү бэлиэтиэххэ,кып-кыратык истэхпинэ туох да буолбат инибин,диэн.Ону ханан эрэ мэйиим түгэ5эр саhан олорор биллибэт күүс утарса сатыыра "иhимэ даа,биир үрүүмкэни истиҥ да5аны тохтообокко бара туруоҥ,урукку олоххор төннөргөр тиийэ5ин.О5олоргун санаа,ойоххун санаа,кытаат тулуй." Илиим салыбыраан,миигин олох да истибэт,бэйэтэ бытыылка диэки бара турар.Эмиэ оннук буолбут салыбырас атахтарбын нэhиилэ соhон илдьэн оронум анныттан,көҕөрүөр диэри аһыйан хаалбыт ыаммытынан үүтү,сэрэххэ бэлэмнээн ууран туруорарбын,дьалкыта-дьалкыта утаппыттыы ыйырбахтаатым.Магнезияны бу маннык аhыйбыт үүтүнэн солбуйбутум.Уонна суулана охсоот ороммор сытынан кэбистим. Мин арыгы испэтэ5им бэhис ыйыгар арыгы "ломката" диэни эппинэн-хааммынан саҥа билбитим.Төбөм иhэ хааhы курдук,тугу да сатаан толкуйдаабат,бэйэм тугу гынарбын хонтуруоллаабаппын.Испэр атын киhи киирэн,мэйиибин салайа сылдьар курдук.Үс түүннээх-күн абааhылар илэ сырса сылдьыбыттара.Хас да арбайан хаалбыт бүтүннүү түү дьон,атахпыттан таҥнары остуол диэки соhон илдьэн,водканы күүстэринэн айахпар кута сатыыллара.Мин онтон-мантан тутуhан-тардыhан,ороммор куотан кэлэ турарым.Оронум улаханы абырыах курдук саныырым буолуо.Суох,син-биир соhон илдьэллэр.Бу ынырык түгэни тылбынан кэпсээн сатаан тиэрдибэт эбиппин... Үһүс күммэр амырыын сыт муннубун саба биэрэриттэн уһуктан кэлбитим.Кус сыгынньах муннукка токуччу туттан сытар эбиппин.Дьиэм иhэ бардак.Ханна түбэhиэхчэ дэлби сыптарыйан кэбиспиппин,матарааhым туома туhаттан тахсыбыт,курдаттыы сыптарын.Аhым да5аны,харчым да5аны мэлисээй,,остуол кубус-кураана5ынан мэлдьэспиттии көрөн турар.Дьиэм аана сэгэйэн аhа5ас этэ...Дьиэм ортотугар аhыйбыт үүттээх үс лиитэрэлээх баанка,"дьэ үтүө сарсыарданан,биhиги кыайдыбыт" диэбиттии хороллон турара.Мин туох ханнык буолбутун сиhилии өйдөөбөтөрбүн да5аны,төбөм чэпчэки,өлөттөрүү сибикитэ баара биллибэт."Дьэ кырдьык үтүө сарсыарда,биhиги кыайбыппыт" диэн үөрэн мичиҥнии сыппытым.Харчы сүппүтэ,ас мэлийбитэ,сыптарын сыта диэхтээн,ити барыта олох бытархайдара буолла5а. Ааммын киhи сэгэтэн киирэн кэллэ,мин онно соччо кыhамматым. -Михаил,как ты? Ыаллыы олорор байаанныыр киhи эбит. -Я победил,-эрэ диэн мичээрдии сыттым. -Не хрена,ты глючишь.Мы тебя в психушку хотели сдать.Скажи спасибо Варваре,это она за тобой ухаживала,уколы ставила. Так,кого победил? -Теперь уже не важно.Спасибо Сергей,за все. Мин мичээрдээбиппин кубулуппакка сытан махтанным.Варвара диэн Витя ийэтэ.Ханнык эрэ балыыhа5а сиэстэрэлиир этэ. Таҥаспын суунан,дьиэбин хомунан бүтэн эрдэхпинэ Варвара киирэн кэллэ: -Хайдаххыный? Аны дьиэни уоттаан кэбиhиэ диэн куттанан,ааҥҥын алдьатарга күһэллибиппит. -Бу диэн тугу да үчүгэйдик өйдөөбөтөрбүн да5аны,билигин бэртэх кэлбит курдукпун.Көрбүккэр-истибиккэр махтал. -Мин эн кыhал5а5ын өйдүүбүн.Мин кэргэним буолуохсут арыгыттан сүрэ5э тохтоон өлөөхтөөбүтэ.Хата эн тулуйдун дии,иhэн кэбиспитин буоллар эмиэ иэдээннээх суолгар төннүөн этэ.Кытаат бэйэ5ин көрүҥ.Ити харчыгар таҥаста-сапта ылын,тиискин-уоскун оҥоттор.Оччо5уна дьахтар аймах соччо сирбэт киhитэ буолуох курдуккун.Харчын,аhын барыта миэхээ баар.Аскын халадьыынньыкпар киирэн уурдарар буолаар,кыбыстыма. Мин үөрүүбүттэн харахпын быhа симэн,биир да тылы ыhыктыбакка,саҥата суох олорон хаалбытым.Бу орто дойдуга үтүө дьон баара то5о ба5ас үчүгэйэй.

    Салгыыта. - Тулуурдаах 18.05.2014 (15:29) (94.245.134.59) Саас.Саас барахсан тиийэн кэлбитэ.Урут маҥнайгы ньургуhуннары кытары тэҥинэн,биhиги,араастаан сал5анан таҥныбыт "биистэр" уулуссалары "киэргэтэрбит".Саас эдэр дьонтон,ыччаттан сылта5а суох кырбанарбыт,тэбиллэрбит үксээтэр да5аны,сылаас күн уотугар сыламнаан астына дуоhуйарбыт. Бэйэ тохтоон,билигин оннук буолбатах.Арыгы испэтэ5им а5ыс ый буолбута.Быстах-быстах да буоллар онно-манна үлэлээн балай да хамнастанар буолбутум.Саҥа таҥастанан-саптанан,бэл тиис оҥотторон,муннубун көннөттөрөн киhи билбэт киһитэ буола уларыйбытым.Бу бэйэлээх ама урут олбуор анныгар итирэн охто сыппыта буолуо дуо,диэххэ айылаах.Онноо5ор урут хаһан да киирбэтэх автобуспунан айанныыр,дьону-сэргэни кытта тэҥнээх курдук туттан кэпсэтэр буолан барбытым.Киhи таҥаһа-саба,сирэйэ-хара5а дьон-сэргэ ортотугар улаханы быhаарар эбитин билбитим.Маны барытын Варвара уонна ыалларым көмөлөрүнэн ситиспиппин хаhан да умнубаппын.Киhи киhиэхээ көмөтө,өйөбүлэ диэн сүдү да күүс буолар эбит! Кыбыстыбакка ханнык ба5арар тэрилтэлэргэ,культуурнай кииннэргэ киирэр кыахтаммытым.Ол аайы билигин миигин ким да,уруккум курдук эмэhэ5э тэбэн таһаарбат.Бастатан туран мин куоракка үөрэнэр о5обун Сеняны көрдүүр былааннаммытым.Хайаан да булан хайдах олороллорун,олохторун-дьаһахтарын сураһан билэр ба5алаа5ым.Үлэм быыһыгар араас оскуолалары,интернаттары хастыыта эмэтэ кэрийэ сылдьан ыйыталаһа сатаабытым да,оннук ааттаах о5о суох,диэнтэн атын хоруйу истибэт этим.Арааһа холуочук кыыс тугу эрэ бутуйбут,эбэтэр сымыйалаабыт диэн түмүккэ кэлбитим.Ба5ар араспаанньата уларыйбыта буолуо диэммин,бүтэһик эрэлим Сеня диэн ааттаах,араспаанньатыттан тутулуга суох,интернатка олорор спортсмен о5олору сураһарым эрэ хаалбыта.Уһуннук көрдүү барбата5ым бүтүн куорат үрдүнэн 16 саастаах мин көрдүүр о5ом со5отох буолан биэрбитэ.Ол интернатка тиийэн,сэбиэдиссэйи кытта кэпсэттим.Көрсөргө көҥүл ылан санаам чэпчээн тахсан эрдэхпинэ: -Сеня а5ата кэлэ сылдьар,куоракка күүлэйдии барбыт буолуохтаахтар,сотору кэлэллэр ини,-диэн сүүскэ сырбаппыт кэриэтэ тыбыыран саайда. -Ханнык а5ата?..Ал5ас ыйыппыппын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. -Бэйэ эрэ оччо5уна төрөппүт а5ата эн буола5ын дуо?Сура5а суох сүппүт,өлбүт...Игин диэн сэбиэдиссэй элбэ5и саҥаран эрэр этэ да,туох да кулгаахпар тиийбэтэ5э.Тахсаары аан тутаа5ын сыыһа-халты харбыалыы турдахпына: -Сеня5а тугу тиэрдэбин,туох диибин? -Суох,тугу да этимэҥ. Остуолба курдук ыараан хаалбыт атахтарбын соһон,автобуһунан сылдьар буолбут бэйэм,сатыы Сайсары диэки саллаҥныы турбутум.Олох уруккубар түһэн хаалбыт курдук этим.Күнүм туллан түспүттүү,тула өттүм хараҥа,дьон аттыбынан эмэгэт эрэ кэриэтэ элэҥнэһэллэр.Атахтарым бэйэлэрэ арыгы ма5аһыыныгар тиэрдибиттэрэ.Бытыылкабын уруккум курдук кистии-саба буолбакка,хороччу туппутунан дьиэбэр киирбитим.Арыгыбын чааскыга толору куттан,хайдах буолуохпун билбэккэ олордохпуна,ааммын тоҥсуйдулар.Ити Варвара буолара биллэр,кини эрэ итинник тоҥсуйааччы.Аспакка олорбутум.Сотору со5ус Сергей саҥата иһилиннэ: -Михаил,сейчас же открой,а то дверь снесу.Считаю до трех,-диэн эрэрэ да ааным эмискэ тэлэллэ түспүтэ.Холку бэйэлээх,гитара тутуурдаах Варвара киирэн кэлэн,аттыбар олорбута: -Михаил,миэхэ эмиэ кут эрэ. Мин саҥата суох чааскы ылан,ортотунан кутан биэрбитим. -Иһиэхпит иннинэ таптал туһунан биир ырыата бэлэхтээ,-диэн баран гитараны туттаран кэбиспитэ.Мин хайдах да аккаастанар кыа5ым суох этэ.Бачча абыраабыт,көрөн истэн киһи гыммыт дьахтарбар хайдах аккаастаныахпыный:

Көрдөһүөм этэ мин чуумпу тыа Аарыма кырдьа5ас тиититтэн Суох дьолу буолбатах түгэни ...... ........ ....... Варвара эмиэ ыллаһан барбыта:

Ардахтаах үрүҥ түүн бэлэхтээ эн миэхэ Чэбдик тыал кэриэтэ эрчимнэ, Үрүйэ уутунуу ып-ыраас Кыыс о5о имэҥнээх тапталын.

Үчүгэй да куоластаах эбит.Ити курдук биһиги иккиэйэ5ин олорон киэһээни быhа ыллаабыппыт.Онтон Варвара мооньубуттан кууhан,уураан ылбыта.Мин эр киhи эрэ буолларбын хааным оонньоон кэлбитэ,хардары уураабытым.Онтон орон диэки сиэтэн илдьибитим,эбэтэр кини миигин сиэтэн а5албыта эбитэ дуу?Дьахтар диэни билбэтэ5им ырааппыт эбит этэ,Варвара да5аны эр киhилиин хоонньоспото5о быданнаабыта буолуо.Биhиэхээ алыптаах таптал түүнэ үүммүтэ. Сарсыарда эрдэ: -Кыайыахпыт,барытын кыайыахпыт,-диэн баран уоспуттан уураан ылбыта. -Киэhээ,үлэбиттэн кэллэхпинэ театырга барыахпыт,ити аhы халадьыынньыкпар таhааран ууран кэбиhиэм,-диэн испэккэ хаалбыт водкабытын иhитигэр төптөрү кутан,дьиэтигэр илдьэ тахсыбыта. Ити күн сап-саҕаттан сал5анан хаалбыппын,чуут урукку олохпор төннө сыыспыппын кэлин өйдөөбүтүм.Варвара барахсан миэхээ арыгы иhэрдимээри бэйэтинэн сиэртибэлэммитэ эбитэ дуу,мин курдук дьаабы олохтоох киhини дьиҥ чахчы сөбүлээбитэ эбитэ дуу?

салгыытын куутэбин да куутэбин - 555 18.05.2014 (17:38) (80.83.239.105)

салгыытын куутэбин - мин 18.05.2014 (21:40) (80.83.239.105)

Салгыыта - Тулуурдаах 18.05.2014 (18:18) (94.245.134.59) Мин уолбун көрүөхпүн олус ба5арар буолан барбытым.Саатар ыраахтан көрүөхпүн,хайдах киһи буола улааппыта буолла.Ол саас интернат диэки субуутуурум үксэбитэ.Иллэҥ буоллум да тиийэн,иһирдьэ киирбэккэ эрэ аан таһынан элиэтиирим.Ба5ар киирэн-тахсан истэ5инэ көрүөм,көрдөхпүнэ бэйэбэр маарыннатан билэр инибин диэн саныырым.Суох, о5олор бары үүт-үкчү курдуктар.Суумкаларын сүгэн,кыбынан үөрэнэ бараллар-кэлэллэр.Киэһээтин тахсан лапталыыллар,ону-маны оонньууллар.Ыйыталаспакка,кэпсэппэккэ хайдах да билиэ суохпун өйдөөбүтүм.Туох да диэн кэпсэтиэхпин да билбэт буолла5ым.Онон сүрэ5им ытырбахтаатар да интернаттан тэйэргэ күһэллибитим.Ол күһүн арыгы испэтэ5им оруобуна биир сыла туолуута миэхээ дьол илэ бэйэтинэн тосхойбута. Биир киэһээ үлэбиттэн кэлэн иһэн дьиэм айа5ар, ыскамыайка5а икки уол олорорун бэлиэтии көрбүтүм.Мин ааһа көтөн дьиэбэр киирэн эрдэхпинэ,биир уола кэннибиттэн батыһан киирбитэ. -Михаил диэн эн дуо? Саҥа эр киһилии соҥоон эрэр куолаһынан боччумнаах ба5айытык туттан ыйыппыта.Иэстэрбин барытын төлөөтүм этэ дии,өссө кимиэхээ иэстээх буоллахпыный? Диэн толкуйдуу-толкуйдуу,бэйэбинээ5эр төбө кэриҥэ уһун,кэтит эттээх-сииннээх уолу хантайан одуулуу турдум. -Михаил диэн эн дуо? Уол иккистээн ыйытта. -Мин.Дьиэ5э киир,туох наадалааххыный? Диэн хардары ыйытааччы буоллум. Уол дьиэ5э киирэн халыҥ көхсүнэн бүтүннүү сабардаан кэбиһэргэ дылы гынна,дьиэм кыара5ас ба5айы курдук көһүннэ. -Эн миигин ба5ар билбэтин,өйдөөбөтүн буолуо.Мин...мин аатым Сэмэн..,- диэн долгуйан кэлэ5эйдээн ылбыта. Бастаан сатаан өйбөр батарбакка,аҥалыйан утары одуулаан турбутум.Бачча обургу киһини сатаан булбакка, кэбиһиилээх окко иннэни көрдүүр курдук кэбилэнэ сырыттахпыан. -Эн миигин төрөппүт киһим буоларгын билэн кэпсэтэ,билсэ кэллим. Ол күн,уһун киэһээни быһа кэпсэтэн элбэ5и биллим,иһиттим.Бэйэм туспунан тугу кэпсиэхпиний,кэпсиирим да суо5а. Ойо5ум миигиттэн арахсыбыта сыл эрэ буолаат кэргэн тахсыбытын,араспаанньаларын уларыппыттарын,билигин ыал тэҥинэн үчүгэйдик олороллорун,Университетка үөрэнэ киирбитин туһунан,онтон да элбэ5и кэпсээбитэ.Паапам үчүгэй үлэһит,паапам куруук куска,куобахха илдьэ сылдьар...Ол киһини үгүстүк паапам диэтэ5ин аайы мин сүрэ5им ытырбахтыы олорбута. Миигин хайдах булбутун туһунан сураспыппын: -Ону эппэппин.Эйигин булан кэлбиппин ити табаарыспыттан ураты ким да билбэт,-диэн түннүк диэки ыйбыта,табаарыһа кэтэһэ сатаан баран барбыта быданнаабыт быһыылаа5а. -Эн ийэбин,бырааппын көрдүү,көрсө сатаама сөп.Олохторун аймаама,уруккуну эргитимиэххэ.Бу диэн эттэххэ быраатым эйигин соччо-бачча өйдөөбөт да5аны.Ийэм эмиэ эйигин ахтыбат,паапабын кытта дьоллоохтор. Бараары туран миигин, кыбыс кытаанах эр киһилии илиилэринэн ыга кууһан ылбыта уонна: -Чэ пока,ба5ар биирдэ эмэ охсуллан ааһар буолуом,-диэн дьоһуна симэлийбит,ытамньыйан эрэр куолаһынан быраһаайдаһаат,онтун кистии-саба тутан, тахсан бара турбута. Уоллаах а5а кэпсэтиилэрэ итинэн түмүктэммитэ.Аны уолум хаһан да миэхээ кэлбэтин,көрсүбэппитин сүрэхпинэн сэрэйбитим.О5о эрдэ5инэ хомоппутум оччо буолла5а.Детсадка сырытта5ына,итирик ыла тиийэрбэр төһө эрэ кыбыстаахтыыра эбитэ буолуой?Биирдэ кулгаа5ым кырыытынан истэн хаалбыттаахпын,о5олор үөхпүттэригэр:"Это не мой папа,это папа моего брата",-диэн эрэрин. Бу кэпсэтэрбитигэр уолум биирдэ да "а5а" диэбэтэ5э.Оннуга эмиэ сөпкө дылы.Мин кинилэри иитиигэ,бачча дьон буола улааппыттарыгар туох да кыттыгаһым суох,ол аата туора киһи буолла5ым.Билигин эмискэ күөрэйэн кэлэн олохторун аймыырым табыллыбат.Сүппүтүм,симэлийбитим быдан ордук.О5ом барытын сөпкө эттэ5э.Арыгыhыт дьыл5ата оннук.

оо дьээ эчи хомолтотун - Анна 18.05.2014 (18:47) (82.145.220.126) салгыытын кэтэьэбин Кытаанахтык бырахпыккын аргыгын - м 18.05.2014 (20:19) (80.83.238.20) Маладьыас,кытаат Дьиринник да ылларар эбиттэр,соруйан иьэллэр дии саныырым .. - мин 18.05.2014 (20:31) (82.145.220.210) наьаа учуей кэпсээн )) кэтэьэбин суруйаргын бу дьиннеех олохтон - я 18.05.2014 (22:01) (85.26.241.3) или айан суруйдугут да,мин кисим емтете емтете куруук исеехтиир,асынабые ее киси бысыытынан кини курдук киси суох,сымнагас,оттон аргы исиегине саната елбиирин собулеебеппин,комолос диетегине комолособун,сытыарабын,утутабын,дьигинен ол бу кусаганы онорбот миехе да дьонно да,сымнагас майгылаах уонна че итинник курдук,асынабын агай,емтет диетеххе емтетер,аны улесите,ону маны сатыыра олох испет кына хайдах комолособун ону сатаан толкуйдаабакка сылдьабын,дьоно емие учей дьонноох, емие да улелеех,урдук уорехтеех,но хайдах еме санаата тустегине исиен багарар бысыылаах,какой то комплекс у него,испет боллагына ваще учей да исиен багарарын билебин мин,глюктуо диен куттанааччыбын бейем,тосото кырбанан келбитин,тосото онтун мантын сутербитин билебин агай,ол харчытын ааган сиппеккин,бейем харчылаах,улелеех,дьиелеех буолан кысаммаппын,хайдах кынан олох испет кыныахха собуй,сыл испет емтетен баран,онтон исен кебисер,когда нибудь мин емие ууруом онтум бич буолуо диен куттанабын,иедеен дии.... саамай сөп. дьон олоҕун аймаама. - 9уон 18.05.2014 (22:10) (82.145.222.239) аргы куһаҕанын дьонун аргыһыт буолаллара хайдах курдук сааттааҕын эппинэн хааммынан билбитим. оннук билбитим да үчүгэй курдук билигин аргынан үлүһүйбэппин, аргыһыттары сэмэлиибин... биир тыынын аахтым кэпсээҥҥин. олус диэн бэрткэ суруйбуккун. онтон варвара ханна баар? Салгыыта - Тулуурдаах 18.05.2014 (21:18) (94.245.134.59) Мин иккистээн төрөөбүтүм,бу олоххо эргиллэн кэлбитим бэһис сыла үүммүтэ.Бу кэмҥэ мин "чааһынай предприниматель" диэн аатыран үлэлии-хамсыы сылдьарым.Баара суо5а түөрт эрэ сыл иһигэр,сынньанар диэни билбэккэ үлэлээн,мин оло5ум лаппа тупсубута.Ол курдук куорат киинигэр толору хааччыллыылаах үс хостоох дьиэ,омук массыынатын атыылаһан дьонтон хаалсыбат буолбутум.Ол эрээри көҕөрүөр диэри ыбылы аһыйбыт ыаммытынан үүтүм,курустаал иһиккэ кутуллан,билигин да оронум анныгар турара.Ый ата5ар-баһыгар арыгы иһиэхпин олус ба5аран "ломкалыырым".Түүлээх дьонум да5аны ханна да сүппэтэхтэрэ.Атахпыттан таҥнары соспотоллор да5аны,дөрүҥ-дөрүҥ быгыахтаһан,"ыалдьыттаан" ааһаллара.Мин кинилэри утары охсуһар албаһы булбутум.Быгыахтаһыахтаах кэмнэрин,хайдах түгэҥҥэ наһаалыылларын сэрэйэн билэр да буолбутум.Кыймаҥнаһан тахсан эрдэхтэринэ тута таһырдьа,дьон-сэргэ ортотугар кэпсэтэ,сэһэргэһэ ыстанарым.Күндү до5орбун Варвараны сиэппитинэн куорат устун хаамсарбыт,театырдарга сылдьарбыт.Дьон сэргэ ортотугар сылдьар,аралдьыйар арыгы иһэр санааны симэлитэрэ саарба5а суох.Ол аайы билигин Варвара,хонно5ум анныгар диэххэ дуу,баара.Кинилэр чуп-чугас уулусса эрэ нөҥүө биир хостоох квартира ылалларыгар харчыннан болточчу со5ус көмөлөспүтүм.Онон син-биир ыаллыы олорорбут.Биһиги Варваралыын,икки ардыбытынан уу тэстибэт,до5ордуу буолбуппут.Ол эрээри холбоһон,бииргэ олорор туһунан олох да санаабат,өйбүтүгэр о5устарбат этибит. Бу сыллар тухары,ба5ар уолум ыалдьыттыы кэлээрэй диэн,санаабар сэмээр кэтэһэрим.Кэллэ5инэ ас талбытынан күндүлүөм диэн,со5отох бэйэм халадьыынньыкпар тобус толору астаах буоларым.Биирдэ дьиэбэр киирэн иһэн почтам дьааһыгын хаһан да өҥөйөн көрбөт бэйэм,хайа5аһынан туох эрэ маҥан кумаа5ы кылбайа сытарын таба көрдүм.Арыйан ылбытым сурук эбит.Чопчу мин аатым,аадырыһым суруллубут.Дьиэбэр ыксалынан киирэт да,аахпытынан бардым.Тыый,уолум,Сэмэн суруйбут.Өссө бу "уруу илдьитэ" баар,Валя,Сеня...О5ом барахсан ыал буолан эрэр эбит.Пахай...туй-сиэ,буолан ааспыта быдаҥнаабыт,ааспыт ыйдаа5ы чыыһыла турар.Оо,хайдах эрдэ арыйан көрбөтөхпүнүй.Суругу тэнитэ баттаан аахпытым: "Дорообо,а5аа!" А5аа, диэбит,бу дьолбун...О5ом миигин,а5аа, диэбит. "Мин үчүгэйдик үөрэнэ сылдьабын..." Үөрэ5ин,оло5ун туһунан,ыал буолан эрэрин сиһилии суруйбут.Онтон түмүгэр: "Көспүккүн билбэккэ,урукку дьиэ5эр тиийэ сылдьыбыппар,ыалларын эн тускунан элбэ5и кэпсээбиттэрэ.Арыгы испэт буолбуккуттан олус үөрдүм.Бырааппын,ийэбин көрүөххүн олус ба5араргын өйдүүбүн.Сатанар буолла5ына сыбайбабар кэлэ сылдьаар,онно кинилэр баар буолаллар." "Уонна кинилэри кытта кэпсэтэ сатаама,бааргын биллэримэ,"-диэн кытаанахтык сэрэппит.Баарбын биллэриэхтээ5эр олох да хойутаан хаалбыппын.О5ом барахсан,а5ам,диэн син санаахтаабыт дии,ыал буолан эрэрин биллэрбит,онтон үөрүө диэн сэрэйдэ5э.Мин ис-испиттэн үөрбүтүм,сотору өссө эһээ буолуом турда5а.Көнөтүнэн сыбаайбатыгар ыҥырбыта да буоллар,ханнаа5ы сирэйбинэн тиийиэхпиний? Суох буолла5а дии. Мантан ыла хайдах эрэ гынан биллибэккэ,кэтэхтэн о5олорбор төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыр санааламмытым.Бу сурук миигин олуһун диэн кынаттаабыта.Урут бэйэм эрэ иннибин көрүнэр хара сордоох эбит буоллахпына,билигин кэтэхтэн да буоллар,ким эрэ туһугар кыһанар,көмөлөһөр буолан барбытым.Быһатын эттэххэ "ответственность" үөскээбитэ.

наьаа да маладьыаскын!!!!! - варя 18.05.2014 (21:46) (80.83.239.105)

наьаа да маладьыаскын!!!!! - варя 18.05.2014 (21:46) (80.83.239.105)

наьаа да маладьыаскын!!!!! - варя 18.05.2014 (21:46) (80.83.239.105)

кытаат суруйан ис - урут иьээччи этим 18.05.2014 (21:50) (82.145.221.144) мин эмиэ урут иьэн-иьэн кэлбит киьи,билигин испэппин,о5о уруу билигин баар,хата сотору эн курдук сиэн куутэбит..суруйан ис кытаат..# кырдьык тулуурдаах киьи эбиккин - Тоже мать 18.05.2014 (23:23) (80.83.239.95) Итиннэ сила,воля,характер наада ди.Надо же иметь такой характер,чтоб взять и бросить.Сехтум,наьаа учугэйдик суруйа5ын.Сурдээх ейдеех киьигин быьылах.Атын дьоннор курдук аргыьыт буолбуккар кими да буруйдаабыккын аахпатым.Кырдьык киьи бэйэтин оло5ун бэйэтэ оностор.Ону киьи эрэ барыта кыайар буолбата5а буолуо.Тэмтэрийэн баран кеммут киьи а5ыйа5а буолуо. Тулуурдаахха - Сэнээрбит аа5ааччы 18.05.2014 (23:25) (80.83.238.27) АРЫГЫНЫ КЫАЙАР КИЬИ АХСААННААХ. Мин санаабар эн бу суруйбутун курдук кинигэ таьаартарарын септеех буолсук. Мин аа5ан баран онноо5ор табахпын быра5арга сананным, . Кинигэ тахсара буолла элбэх киьиэхэ кемелеьуе этэ дии саныыбын, эн кинилэри тулуурдаах буоларга уерэнэллэригэр холобур курдук буолуон этэ. Дьинэ элбэх киьи арыгытын быра5а сатыыр да тулуурдара, куустээх санаалара тиийбэт. тулуурдаах - доброжелатель 18.05.2014 (23:14) (85.26.241.62) Молодец всё таки победил и всё таки нашёл сына ну теперь хоть знаешь как они живут молодец пиши дальше сейчас мало таких людей если они ещё есть конечно чтобы так боролись за себя за свою жизнь иза.своих родных что с такого падшего человека вышел влюди желаю удачи в твоей дальнейейшей жизни и найти свою половинку всё ещё непоздно молодец держи хвост пистолетом не здавайся Салгыыта - Тулуурдаах 19.05.2014 (13:57) (94.245.134.59) Миигин сырдык олоххо сиэтэн а5албыт,үрүҥ күнү көрдөрбүт күндү киһибин,до5орбун Варвараны эмтэммэт ыарыы кытаанахтык төлөрүйбэт гына буулаабыта.Туохпун да харыстаабакка,со5урууннан-хотуннан сиэтэ сылдьан эмтэтэ сатаабытым да5аны кыайбатахтара.Тиһэ5эр тиийэн барахсаным батта5а саккыраан,тииһэ баранан,киһи дьулайар гына дьүүдьэйэн,хайдар аҥаара эрэ хаалаахтаабыта.Салгыы эмтэтэ сатыыр туһата суо5ун,бу ыарыы тиһэ5эр тиийэн ылыахтаа5ын ылыа5ын иккиэн да өйдөөбүппүт.Атын дойдуларга эмтэнэ айанныыр сэниэтэ да суох буолбута.Ыйтан ордук суор5аннаах тэллэххэ турар кыа5а суох сытаахтаабыта. Биир түүн,ыарыылаан аттыгар нухарыйа олордохпуна эмискэ сэниэлээх ба5айы куолаһынан ыҥырбыта уонна уҥуох-тирии буолан хаалбыт илиилэринэн ытыспын бобо тутан баран: -Миша...Миша,эн баар буолаҥҥын мин дьоллоох да оло5у олордум...-диэхтээбитэ.Онтон сыыйа-баайы тыынара ыараан,хаһыҥыраан киирэн бараахтаабыта.Сарсыарда диэкинэн хаһыҥырыыра сэдэхсийэн,мин илиибин бобо туппутунан,сырдык тыына быстаахтаабыта. Биһиги уон сыл устата билсибиппит,до5ордоспуппут тухары,кини мин туспар сүүрэн-көтөн,көрөн-истэн,кыра о5олуу бүөбэйдээн тахсыбыта.Ис сүрэ5иттэн истиҥ сыһыанынан буор арыгыһыты киһи гынна5а.То5о эр дьон баранан,миигин талан ылбытын баччааҥҥа диэри сатаан өйдөөбөппүн.Ба5ар таптыыр кэргэнин арыгы алдьархайыттан сатан өрүһүйбэтэ5иттэн иһигэр кэпсинэн,бу олоххо иэстээх курдук санана сылдьыбыта буолуо.Онтун миигининэн боруостаан иэһин толорбут курдук санананаахтаабыта буолуо,диэн билигин сэрэйэбин эрэ.Биһиги сыһыаммыт истиҥин,онноо5ор үгүстүк хоонньосторбут да5аны таптал иэйиитэ сүрэхпитин-хааммытын абылыы сүүрбүтүн билбэппин.Эбэтэр арыгыһыт киһи дууһатыгар таптал иэйиитэ төннүбэт гына саас-үйэ тухары умаллан хаалара дуу.Бу диэн санаатахха мин дьахтар таптала диэни билбэккэ олохпун моҥоон эрэр эбиппин. О5олорбун,ойохпун кэлин көрбөтөҕүм,көрдүү да сатаабаппын.Олохторугар орооһорум сыыһа буолуо дии саныыбын.Хайдах дьон буолбуттарын,хас сиэннэммиппин билбэппин.Ол да буоллар о5олорбор хамсаабат хапытаал оҥорон,кэриэспин суруйан бэлэмнээбитим.Билигин мин алта уоммар чугаһаабыт киһибин.Кэннибин хайыһан бу олоххо үктээбит ыллыкпын ырытар кэмим кэлэн эрдэ5э буолуо.Умнуллубат о5о сааһым,ийэм,а5ам тапталлара,эбээм барахсан сарсыарда аайы ытыйар күөрчэ5ин амтана барыта бу баар курдук өйдүүбүн.Онтон күндү до5орбун Варвараны көрсөн,көнө суолга үктэммит,олус ыарахан эрээри,кэрэ кэмнэрим.Арай...Арай эдэр сааһым ханна да суох.Ким эрэ соруйан быһа тардан ылан кутаа уокка уматан кэбиспитин курдук.Эрчимнээх эдэр сааһым туһунан киэҥ тутта кэпсиирим туох да суох эбит.Барыта биир кэлимсэ,сиэрэй олох.Барыта арыгы... Арыгы испэтэ5им бу күһүн сүүрбэ сыла туолар.Ол эрээри бу ыарыыны толору кыайдым диэн эрэллээхтик этэр кыа5ым суох. Билигин да5аны иһиэх санаам дөрүҥ-дөрүҥ киирэн кэлэр.Оччо5уна син-биир иннибин-кэннибин билбэт буола дэлби ньиэрбинэйдиибин.Ол аайы билигин урукку курдук буолбатах магнезияны,аһыйбыт үүтү араас эмтэринэн,укуолларынан солбуйабын.Абааһыларым "барахсаттар"ханна да сүппэтэхтэрэ батыһа сылдьаллар.Сүүрбэ сыл тулуйан испэккэ сылдьар киһи ахсааннаа5а буолуо.Хас күн аайы Үрүҥ айыыттан "арыгыта суох күннэ бэлэхтээ" диэн көдөһөн уһуктабын. Уопсайынан алкоголизм ыарыыта,атыннык эттэххэ "болезнь виртуальной реальности" хайдах да эмтэммэт.Биирдэ "глюк" биэрбит мэйии чөлүгэр түһэрин саарбахтыыбын.Хаһан эрэ,ханнык эмэ түгэҥҥэ син-биир "глюктуу" турар. Бу ыарыыны эмтиир эми наука айа илик.Мин санаабар "пересадка мозга" оҥордоххо эрэ кыайтарар ыарыы буолуо.Оннугу наука эмиэ айа илик. Олох кэрэтэ,үчүгэйэ барыта ханан эрэ аттыбынан куота ааста5а,ону мин арыгынан утахтана сылдьан таба туппатахпын.Билигин кэлэн олуһун диэн кэпсинэбин.Бэйэм кыһал5абынан дьону эрэйдиэхпин ба5арбаппын,онон олохпун со5отох моҥуурга күһэлиннэ5им. Арыгыһыт дьыл5ата оннук буолла5а.

олус учугэй сэьэн - аахтым 19.05.2014 (14:15) (82.145.222.54) киьини толкуйдатар,уерэтэр.тулуур диэн баар киьитэ эбиккин!маны ааган эдэр дьон толкуйданын,эдэр сааскытын кутаа уокка уматыман!

оо дьэ.о5олоргун кытары все таки билсиэхтээх этин дии саныыбын - мин 19.05.2014 (14:33) (80.83.239.9)

Ба5ар кинилэр эмиэ корсуохтэрин ба5араллара буолуо дии. Ол урут эдэр эрдэхтэринэ корсуохтэрин ба5арбатахтарын иьин билигин бэйэлэрэ ийэ а5а буолан олоххо коруулэрэ уларыйда5а дии. Эн билигин комолос ээ. Ол олон баран капитал хаалларбытын диэхтээн....ба5ар ол капиталын яблоко раздора буолуо. Лучше поздно,чем никогда... мин лично бэйэм бырастыы гыныам этэ итинник а5алаа5ым буоллар уонна комо5ор наьаа уоруом этэ. Ба5ар о5олорун сип сибилигин комо5о наадыйаллара буолуо дии.онон толкуйдаа уонна о5олоргун кытта билис диэри гынабын.кэнники кэмсиммэт курдук....

Тулуур туһунан эттэххэ... - Тулуурдаах 19.05.2014 (18:15) (94.245.134.59)

Биллэн турар арыгыны быра5арга тулуур улахан оруоллаах.Арыгы иһэр санааны араас албастары туһанан аралдьыйыахха сөп.Олох кыаллыбат буолла5ына,арыгыттан тэйэр туһугар доруобуйаны да кыратык сиэртибэлиир мин санаабар куһа5ана суох ньыыма. Ол эрээри аҥардас тулуурунан арыгыны быра5ар олус ыарахан,кыаллыбата да буолуо дии саныыбын.Арыгыга ылларыы-ыарыы,арыгыһыт киһи-ыарыһах.Онон тас өттүттэн дьайыыта,көмөтө суох хайдах да сатаан көммөт,үтүөрбэт.Саамай эффективнай эмп чугас дьонун сылаас,киһилии сыһыаннара буолар.Биллэн турар ньиэрбэтэ бараммыт арыгыһыты сырдык олоххо сиэтэн таһаарар олус ыарахан.Онон чугас дьоно өссө ордук тулуурдаах буолаллара эрэйиллэр.Бу, арыгыһыт бэйэтэ да билбэтинэн,саамай кэбирэх миэстэлэрин булан,ол онон туһанан уһун кэмҥэ,ба5ар олох да сааһын тухары системалаан ыытыллар үлэ буолар.

Наьаа да учугэй кэпсээн! - Анжела 19.05.2014 (19:53) (188.244.185.68)

Бу кырдьык дьин олохтон дуо...Маннык олоххо баар буолара киьи итэ5эйиэ суох курдук. Хайдах почти бомж киьи арыгытын бырахпыт да буоллун 4 эрэ сыл иьигэр центрга 2 квартира квартира ылыан собуй. Дьон отто уйэтин тухары улэлээн биир кв ылынна5ына баьыыба буолар ду..или аны олох успешный бизнесмен буолан тахсыбыт ду 4 с анараа оттугэр умнаьыт буолан олорон....олох киинэ курдук ди )

арыгыны бырагыы - тыллыбыт 19.05.2014 (22:20) (82.145.221.175) бутэьигэр хайдах эрэ арыгы олох эмтэниллибэт диэн ейдеьулу хааллардын. того???20 сылы быьа тохтоон.дьонно тахсан баран.оголоргун билсиьэтэгин. дьикти! киьи син ити тухары ейденуехтээх этэ. сымыйа согус кэпсээн дуу дии санаатым(

Дьонугар хайа сирэйинэн тиийиэй?! - Сэнээрбит аа5ааччы 19.05.2014 (23:29) (80.83.238.76)

Мин да олохторун аймыам, орооьуом суо5а этэ. Бииргэ о5олорун керсубэккэ, кэргэнин эрэйдээн баран туох диэн тиийиэй?! Дьоно атын дьиэ кэргэннээх, туспа олохтоох буоллахтара дии, онно кини куерэйэн кестен кэллэ5инэ аймал5ан эрэ таьаарар буолла5а, оо паапабыт кеьуннэ диэн баран уербэттэрэ чахчы. Улахан да уола а5атын билэрэ сеп. Мин бастакы кэргэним иьээччи этэ. О5обут 4 саастаа5ар арахсан барбытым. Номнуо 7 сыл ааста. Ол тухары о5отугар улаханнык наадыйбата. Билигин кини биьиги олохпутугар орооьуон ба5арбаппын. Бэйэтэ этэннэ сырытта5ына сеп. Хаалбыт хааллын. Тулуурдаахха махтал уонна бэйэ5ин хаьан да буруйданыма, эн дьыл5ан маннык буолла5а. Сорох дьон уйэлэрин тухары хомойуох иьин арыгыта да суох виртуальнай реальноска бэйэлэрэ да билбэтинэн олорон бараллар, оттон эн туох ханна баарын син араарда5ын ди. Бары учугэйи кытта!

Дьонугар хайа сирэйинэн тиийиэй?! - Сэнээрбит аа5ааччы

19.05.2014 (23:33) (80.83.239.127) Мин да олохторун аймыам, орооьуом суо5а этэ. Бииргэ о5олорун керсубэккэ, кэргэнин эрэйдээн баран туох диэн тиийиэй?! Дьоно атын дьиэ кэргэннээх, туспа олохтоох буоллахтара дии, онно кини куерэйэн кестен кэллэ5инэ аймал5ан эрэ таьаарар буолла5а, оо паапабыт кеьуннэ диэн баран уербэттэрэ чахчы. Улахан да уола а5атын билэрэ сеп. Мин бастакы кэргэним иьээччи этэ. О5обут 4 саастаа5ар арахсан барбытым. Номнуо 7 сыл ааста. Ол тухары о5отугар улаханнык наадыйбата. Билигин кини биьиги олохпутугар орооьуон ба5арбаппын. Бэйэтэ этэннэ сырытта5ына сеп. Хаалбыт хааллын. Тулуурдаахха махтал уонна бэйэ5ин хаьан да буруйданыма, эн дьыл5ан маннык буолла5а. Сорох дьон уйэлэрин тухары хомойуох иьин арыгыта да суох виртуальнай реальноска бэйэлэрэ да билбэтинэн олорон бараллар, оттон эн туох ханна баарын син араарда5ын ди. Бары учугэйи кытта! дьон себулээн аагар хаьыата бэчээттээн,бэйэтин балаьатыгар таьаардар--бэрт буолуо эбит!!! - вася

михаил - ольга 19.05.2014 (23:20) (188.244.185.68)

Наьаа учугэйдик суруйбуккун. Мин ийэм елеругэр укчу эн суруйбутун курдук буолбута. Эмиэ елере чугаьаабытыгар хаьынырыыр этэ. Кытаат Михаил 60 да туола иликкин. Элбэх киьини билэбин 60 олох оностубут. Эн эмиэ олоххор аргыста бул, олох сал5анар

Тыллыбыкка хоруйдуубун - Тулуурдаах 19.05.2014 (23:45) (94.245.134.59)

Мин сайдыылаах дойдуларга сылдьан,араас ньыыманнан бу ыарыыны эмтэтэ сатаабытым да,хайдах да кыайбаттарын тута билинэллэр.20 сыл арыгыны испэккэ сылдьыы диэн үтүөрүү буолбатах.Мэйиини хайдах да уларыппаккын.Онон алкоголизм ыарыытыгар ыллара иликкинэ арыгыны быра5ар арыый да судургу буолуо дии саныыбын.Эбэтэр арыгы иһэн саҥалаабатах быдан ордук.Арыгыны маҥнай иһэртэн саҥалаан,түмүгэр алкоголизм ыарыытыгар тиийэрин ким билбитэ баарай.

тулуурга - ника 20.05.2014 (18:58) (94.245.145.76)

Мин эйигин керсен кэпсэтиэхпин багардым баьаалыста сибээскэ тагыс

тулуурга - рада 21.05.2014 (20:57) (80.83.239.12)

Маладьыас наһаа үчүгэйдик суруйбуккун мин дьонтон кэлэйэ сылдьабын хата санаам көтөҕүлүннэ олоххо син үчүгэй дьону көрсөҕүн дии дьылҕа хаан атын. Кытаат дьолу соргуну

кэпсээннэр - Мария 20.05.2014 (21:35) (5.45.192.73)

Наһаа үчүгэй кэпсээн,киһи ылларан ааҕа турар өссө туохта эмитэ суруй.

Ника5а - Тулуурдаах 22.05.2014 (12:54) (94.245.134.59)

Хайдах сибээскэ тахсабын,пагердааххын дуо?

тулуурун иьин - авторга 22.05.2014 (15:21) (94.245.156.51)

маладьыас охтон олон туьэн биэрбэтэххин,киьи хара улэьит буолбуккун аргыьыт дьонтон инникэ сырдыкка тардыспыт дьон а5ыйах буолуо,барыта этэннэ эрэ буоллун.

тулуурга - ника 22.05.2014 (18:53) (94.245.145.76)

Эппиэккэр махтал электронной адрес тахсаар эрэ kirillina.65@ mAli.ru

тулуурга - ника 22.05.2014 (18:55) (94.245.145.76)

Кыра ошибка баар @ mail.ru диэр извини

дьэ - skel10 23.05.2014 (00:10) (80.83.239.95)

Дьэ бу учугэй кэпсээн! Дьэ маладьыас - Эбээ2 23.05.2014 (07:27) (185.26.101.36)

Тулуурдаах да эбиккин. Кытаат, дьонно сэргэгэ, кэпсээн таргат, хаьыакка кыымна тахсара боллар. Элбэх киьи ойугэр санаатыгар киириэ этэ. Никалыын сибээстэстин доо. Комо тирэх, субэ ама наада маннык иьэртэн аккаастана сатыыр дьонно, дьиэ кэргэн ойобулэ сылаас сыьыана. Бары учугэйи

Михаил бэрт кэпсээн. - Дмитрий 23.05.2014 (16:02) (217.106.230.142)

Никалыын шанстас)))

Михаилга - эдэр 24.05.2014 (00:39) (37.29.88.70)

Махтал миэхэ эдэр киьиэхэ учугэй куустээх санаа-оноо хааллардын мин отутпар чугаьаан эрэбин,итирэр курдук испэппин,абырахтаммаппын,спордунан кыралаан дьарыктанабын уонна бу эн кэпсээннин аа5ан баран аргыны олох быра5арга сананным диринии илигинэ. Махтал истин кэпсээннэ кырдьык чолбонно или хаьыакка эн кэпсээнин тахсара буоллар элбэх киьи туьаныа эбит

ытыы - Мин 24.05.2014 (08:48) (85.26.241.101)

ытыы аахтым.Билигин да ытыы олоробун

Үчүгэйи ба5арбыт үтүө санаалаах аа5аачыларга махталбын тиэрдэбин. - Тулуурдаах 24.05.2014 (10:14) (94.245.134.59)

Бу кэпсээни аа5ан баран,сөптөөх түмүк оҥостон,сырдык-көнө суолу тутуһарга сананар дьон баар буолбутуттан үөрдүм. Кэпсээммэр "ситиһиилээх бизнесмен" буолбутум курдук өйдөбүл хаалбыт эбит.Биллэн турар оннук буолбатах.А5а саастаах дьон өйдүүллэрэ буолуо 90-с сыллардаахха буолбут инфляцияны,доллар күн аайы үрдүү турар кэмнэрин.Куһа5ан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы,мин итини таба туһанан хаалбытым,недвижимость оҥостон инникибин хааччыммытым.Улахан бизнесмен буолбут курдук санаммаппын.

аа5ан баран харахпыттан уу та5ыста - 30 уол 25.05.2014 (17:24) (82.145.223.26)

мин 15тэн арыгы иьэбин.2 ойохпуттан арахсан 3 о5обун хааларан.тэьэлээх элбэх киьини кэлэппитим ытаппытым буолуой.дьонум бары убаастанар кыахтаах дьон арай мин эрэ.уэрэхтээх киьибин элбэх улэттэн ууруллэн.эн курдук эбээлэрбин санаан харахпытан уу тамалаата.бэттэх кэлбитим ый буолан эрэр ол быыьыгар 5 кун арыгылаан.дьаабы.маны аа5ан баран санаа,субэ киирдэ.махтал.дальнейшем сахалыы эбэтэр медицинанан тохтотор санаалаах киьибин.билигин айылха5а эйбун сааьылыы,куьа5ан санаабын ыраастыы сылдьабын.дьининэн куоракка да дойдубар да дьиэ уот баар уолабын.дьонум кэмэтунэн.тотон дьаабылана сырытта5ым.эйиэхэ махтал

Киьи санаатын бо5ургэтэр бичик суруйбуккун - Стас 27.05.2014 (21:31) (82.145.222.210)

Икки тогул хатылаан аахтым, ойбор толору киллэрдим хайдах курдук аьыы утах куса5анын , хара батталга тиэрдэрин, кистээбэккэ эттэххэ мин торуттэрбэр аргыьыт дьон бааллар этэ миэхэ да5аны даннай баар ону бэрткэ билэбин , бу бичик кэннэ туттунарга сананным , махтал , дом ини дом !!!!!!

Бу кэпсээннин ватсап эйгэтигэр та4аарарын буоллар элбэх киси толкуйданыа дии саныыбын... - Киси 27.05.2014 (22:11) (46.48.240.111)

сэргээн аахтым - эдэр ийэ 21.06.2014 (00:01) (82.145.222.50)

олус учугэй кэпсээн!)))

Даа,хаста да ааҕан баран бастаан куйахым күүрбүтэ.Хайдах эрэ турукка киирбитим. - Хотой уола 22.06.2014 (00:25) (91.193.178.202)

Билигин арыгы иһиэхпин баҕардахпына бу кэпсээни ааҕабын санаабар көмөлөһөр курдук,арыгы иһиэх санаам сүтэн хаалар.Реально аптаах бичик быһылаах.

агабар маны аахтарбыт киьи. - кыыс 26.06.2014 (22:13) (80.83.238.66)

Туулбэр кини сунньугэр туулээх киьи сылдьар диэн туьээбитим. Ол иьэрдэр диэн быьаарбытым. Ону ийэм саба санаран кэбиспитэ. Кырдьык сепке туьээбит эбиппин дии

чэ сымыйалаама уоран иһэриҥ буолуо хотой уола - алкоголь петрович 19.07.2014 (00:17) (91.185.252.1)

Тулуурдаахха, улахан махтал. Биир тыынынан долгуйан аахтым. - Санаа 07.07.2014 (16:16) (82.145.222.193)

Дьоҥҥо улахан көмөнү оҥорор кэпсээни суруйбуккун. Чуолаан арыгы иһэр дьоҥҥо. Инники олоххор өссө да үгүс үөрүүлэри, дабайыылары баҕарабын. Уонна айбыт аҕа быһыытынан оҕолоргун көрсөртөн толлубаккар баҕарыам этэ. Хайа сырайбынан көрсөбүн диэн бэйэҕин баттаныма. Эн төһө буруйдаах буол, оҕо хайа да сааһыгар айбыт аҕатыттан түөһүн муҥунан улахан сүдү күүһү ыларын умнума. Ити айылҕа дьиктитэ. Оҕолоргор күүскүттэн бэристэххинэ, эн олоҕуҥ өссө сырдыаҕа. Уонна ханнык баҕарар оҕо төрөппүттэрин ис сүрэҕэр син биир күүскэ таптыыр. Бары кэрэни. Бэйэм төһө да оҕоҥ кэриэтэ эдэр буолларбын, көннөрү санаабын эттим. Дьолу

9
31.10.2024 08:57

Кырдьык олохтон кэпсээн дуу...

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
31.10.2024 09:10

Оннук

Добавить комментарий