Кэпсээ
Войти Регистрация

Бэйэҥ киһигин көрсүөҥ

Главная / Кэпсээннэр / Бэйэҥ киһигин көрсүөҥ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
04.11.2022 23:18
918 0

Хас да сыллааҕыта. Күһүн. Силбик ардах быыһынан Анаабыр өрүс устун вахтаттан төннөн иһэбит. Подушка катер оргууй долгулдьутан биһигини тус хоту Сааскылаах диэки илдьэр. Кэннибитигэр "Пентагон" хаалар, ол эбэтэр "Майаат" учаастага. Ытык Хайаҕа тохтоон сир аһатабыт. Салгыы айаннанныыбыт. Сир өссө да хара, хаардыы илик, ол иһин кытылга туох буола турара үчүгэйдик көстөр. Оол уҥуор таас хайа тэллэҕинэн, биэрэги кыйа туох эрэ маҥан сүүрэкэлиир. Оо кырса! Бэлиэр маҥхайбыт, - саҥа аллайабын. Бары иллюминаторга сыста түһэллэр. - Тыый, бэлиэр маҥхайбыт, сотору хаардыыһы. Дьэ уолаттар бу үчүгэй бэлиэ, дьиэбитигэр-уоппутугар биһигини туох эрэ үчүгэй күүтэр, - дэстилэр айанньыттар. Аара, күүстээх тыалга, долгун баалыгар оҕустаран айаннаан иһэр аһаҕас туох да хаххата, бириһиэнэ суох моторканы көрөбүт. Икки киһи нүксүччү туттан олороллор. Бачча тыалга-кууска, силбик ардаҕы аннынан хоту дойду дьоно барахсаттар кэргэттэрин иитээрилэр бу үлүгэр ыраах дьиэттэн-уоттан тэлэһийэн кэлэн балыктыы сырыттахтара. Аҕыйах чааһынан Сааскылаах кэлэр. Утары Вахта Камаз көрсөр, бары көхтөөх хампаанньанан суугунаһан тиэллэн үөһээ гостиницаҕа тиэллэн тахсыбыт. Кэннибититтэн кыра массыына саппай уопсан тахсар. Маннааҕы уолаттар балык атыылыы сылдьаллар эбит. Сыаната биир киилэтэ үс аҥаар мөһөөх. - Дойду уола атыылас, дьоҥҥор кэһии гын! Эмис чыыр, сыа да сыа! - арыы саһыл хааннаах доруобай киһи көх-нэм бөҕө. Ким сириэй бачча сибиэһэй балыгы, хайа уонна куоракка холоотоххо сыаната быдан удамыр. Биир улахан чыыры атыылаһабын тууһуурга. Уонна арыый оччугуй суокур диэни. Дьоммор ийэлээх-аҕабар кэһии.

  • Ити маарыын өрүскэ эһиги этигит дуо?- диибин.
  • Аа биһи, биһи

Гостиницаҕа кутуллан киирэбит. Бу кэм саамай үөрүүлээх буоларын Анаабырга сылдьааччылар бары билэн эрдэхтэрэ. Ярустарынан миэстэ булуу. Дьээбэ-хообо, тэбэнэттээх тыл бырахсыы. Кухняҕа киирэн доширак өрүү, ол бу кэнсиэрбэ арыйыы. Биһиги эмиэ доширагынан, кабачковай икранан, килиэбинэн үссэннибит.

  • Самолёт бүгүн көппөт үһү, нелётная погода, = диэн ким эрэ эттэ.
  • Оо, дьэ кэм буолуо биһиэнэ, кэм да хайабыт эрэ ыарахан "сымнаҕас сирдээх" буоллаҕа, - диэн дьон өрө тыынна. Быстыахпыт дуу ойдуохпут дуу манна хоҥор буоллубут.
  • Арба биир пуобар уол баара дии, аста астатыахха! - диэн буолла!
  • Оол сылдьар, ээй пуобар, ээй, кэл эрэ бэттэх, аста темалыахха! Туохта эмит буһар эрэ! - диэн биир дьээбэлээх убай тыл көтөхтө. Онуоха биирэ - Бастатан туран мин эйиэхэ ээй буолбатахпын, ааттаах-суоллаах киһибин! Иккиһинэн мин манна уже бу эһиги бары курдук гражданскай киһибин. Үсүһүнэн ас астааһына миэхэ бу түөрт ый устата во бу курдук хабарҕаҕа турда! - уол илиитинэн моойун сотунна. Бары күлсэн тоҕо бардылар.
  • Кырдьык да уолу сынньатын, сөп буолбут! - диэн саҥалар иһилиннилэр. Онон, ким хайдах тугу буларынан астанан хонор буоллубут. Субу диэн тугу астанан хоммуппутун өйдөөбөппүн, ол эрээри син туох эрэ тушенка, гарнир баар буолан син тыын салҕаммыппыт быһыылааҕа. Түүн да уһун. Тэһийбэккэ кухняҕа тахсан кэпсэтэбит. Чэй иһэбит. Өйүөҕэ ылбыт сухой паекпутуттан бэчиэнньэбитин чэйгэ умньуу-умньуу. Дьэ маннык уһун киэһэлэргэ араас философскай, олох туһунан кэпсэтиилэр үөдүйээччилэр.
  • Ээх, эмиэ тахсан эрэбин, эмиэ дьиэ уот проблемата, маҥнай утаа гостиницаҕа түһэр инибин. Оттон куортам көрдүөм, - диэн өрө тыынар отуччалаах Куоста уол. - Вахтаҕа ол да буоллар үчүгэй да эбит! Бэлэм дьиэ уот, аһаталлар-утуталлар. Күн аайы плюска баран иһэҕин хамнас өртүгэр. Оттон гражданкаҕа таҕыстын да күн аайы минуска!
  • Дьэ этимэ доҕор, кэргэннээх дьоҥҥо үчүгэй буолуо кэм бэлэм аска тиийэллэр, сылаас дьиэ уот, - тыл кыбытар түөрт уончатыгар чугаһаабыт Сэмэн. - Оттон биһигини туох күүтэр? Билигин тиийээт да куоракка шоу! Оттон дойдулуом. Өтөхпөр тахсан сытыам, аны хаһан ыҥыралларын күүтэн. Остуоруйа...Аны олох да сыл аҥаарынан...
  • Ээх уолаттар бары да манна алиментщиктар, арахсыбыттар мустан олордохпут! - суоппар Өлөксөй уол өрө дьэргэйэн тыл көтөҕөр. - Кырдьыга да хайа нормальнай дьахтар сыл аҥаара дьиэтигэр суох киһини кэтэһиэй! Бары да мах бардыбыт. Кырдьыга үксүбүт да туох кистэлэ кэлиэй, арахсыбыт дьоммут. Алимент төлүүбүт. Чахчы да сорох сорохторбут сарсын куоракка тиийдэхтэринэ да ханна хонорбутун да бу диэн чопчу билбэккэ олоробут.
  • Дьахтар барыта албын, туһанар эрэ! Көр ити үнүр бульдозерист Бааска кэпсиир ээ, биир дьахтардыын сыл аҥаара батсаабынан билсибит. Виртуальнай таптал бөҕө буолбуттар. Чүөчэтэ бэл пуорка киирэн барбах иномарканан көрсүбүт. Сайыны быһа бииргэ олорбуттар. Оттон дьахтар сордоох-муҥнаах олоҕун кэпсээн аһыннарбыт. Мөлүйүөн аҥаара кредитын төлөттөрбүт. Хайа уонна өр буолбакка күһүөрү кыс хаар чугаһыыта кус сыгынньаҕын таһырдьа үүрэн таһаарбыт. Этиспитэ буолан, характерынан тапсыбатах буолан аатыран! Дьаабы дии! Ол кэнниттэн тапталга итэҕэйэн абыран! Уол манна сыл аҥаара тоҥмут-хаппыт хаарыан хамнаһа күдэҥҥэ көттөҕө ол!
  • Оттон сыбаарсык Сылаабаны ылан көр, - кэпсэтиини салҕыыр банщик Дьөгүөр, - Сылааба кырдьаҕас киһи дии, оннооҕор кини киирэн биэрбит. Биир быраас дьахтардыын билсэн эмиэ таптал бөҕөтө буолан, тиийээт да киниэхэ көһөн күккүрээн тиийбит. Дьиэ иһин толору миэбэлинэн симээн кэбиспит. Көр эрэ ону ол диэбэккэ, ол дьахтар үлэһит кыыһа кэлэн оҕонньору холдьоҕон таһырдьа үүрэн таһаарбыт. Ийэтэ Сылаабаны көмүскэспэтэх даҕаны. Ол кэнниттэн Сылааба - Баай дьахтар бэйэтигэр тэҥнээбэт эбит, - диэн олохтон хобдох өйдөбүллээх сылдьар. Көр эрэ аныгы дьахталлар циничнайдарын! Сылаабан огдообо дии, үлэһит бэрдэ, сытыары сымнаҕас, ол биирдэ эмит аһаан кээспитэ туох буолуой? Утуйар эрэ буоллаҕа.. -Онон уолаттаар, биһиги маннык барар-кэлэр үлэлээх дьон олохпутун оҥостор уустук буолсу, бииртэн биир дьахтарга колобуок курдук төкүнүйэр эрэ дьылҕалаах эбиппит, - диэн горнорабочай Бүөккэ курустук сонньуйда.
  • Инньэ диэмэ. Ол аата эн бэйэҥ киһигин көрсө илик эбиккин, - диэн хойуу үүттээх чэйин сыпсырыйан иһэ олорон оргууй унаарытта биир киһи. Эргиллэ түстүбүт кини диэки. Өлөөн уола Өндөрөй олорор эбит. Үйэтин тухары белаз суоппара. Наар күлэ үөрэ мүчүҥнүү сылдьааччы, кэпсээннээх-ипсээннэх. Биэс уончатыгар чугаһаабыт бэрт тэтиэнэх турбут-олорбут киһи.
  • Уолаттаар сыыһа толкуйдуугут, эһиги биир халыып санааҕа стереотипка киирэн хаалбыт эбиккит. Мин быһаарыым. Эн баҕар биирдэ, иккитэ, үстэ, бэл аҕыста-тоҕуста да олоххор баҕар табыллыаҥ суоҕа. Били этэргит курдук я от бабушки ушёл, я от дедушки ушёл, били сити күлэр колобуоккут курдук дьахтартан дьахтарга төкүнүйэн иһиэххит. Баҕар кинилэр эйиэхэ для опыта жизни бэриллибиттэрэ буолуо. Эн онтон ончу санааҕын түһэриэ суохтааххын. Ол эрээри мин этэбин эһиэхэ. Эһи хайаан да бэйэҕит киһигитин көрсүөххүт! Ханнык баҕар киһи бу орто дойдуга бэйэтэ бэйэтин киһитэ баар буолар. Кинини көрүстэххинэ, эн сүүстэ да вахтаҕа кэл-бар, эбэтэр дойдуга да сырыт наһаа улахана суох хамнаска, это не будет иметь.значения, нууччалыы эттэххэ. Кини эйигин кэтэһиэ, хайдах бааргынан ылыныа. Олоҕун туох баар ыарахаттарын үллэстиэ, киһи оҥоруо! Мин олоххо элбэх оннук холобуру билэбин, - диэн баран тарбаҕын өрө чочоҥнотто, тула барыбытын эргиччи көрдө. Бары чахчы да баары баарынан этиттэрэн саҥата суох ньим бардыбыт. Өндөрөй этиитэ чахчы да олоххо эрэли сахта, былыттаах халлааммытыгар сырдык сардаҥа уотун сандаарта. Киһи олоххо хайа да түгэҥҥэ сырдык эрэллээх, олоххо тардыһыылаах буолуохтаах диэн санаанан ол күнтэн ыла салайтарбытым. Өндөрөй сөрү-сөпкө эппитин аҕыйах сылынан бигэ итэҕэйбитим.

Чаҕыл

Добавить комментарий