Главная / Кэпсээннэр / Арыгыттан быыһаммыт суолум
Добавить комментарий
Аныгы сайдыылаах үйэбитигэр ааспыт xapaҥa үйэттэн итэҕэһэ суох аартык аайы абааһы, өтөх аайы өлүү симиэрдэ үллэҥнэс курдук кэпсииллэр да, арыт-ардыгар киһи бэйэтин иһигэр икки муостаах илэ илиэһэйтэн итэҕэһэ суох киирэн, өйү-санааны үлтү булкуйан кэбиһэрэ баар суол.
Дэриэбинэбит биир биллэр cоҕyc киһитэ Өчөөн Өлөксөйө саас кустуу сылдьан, өтөҕүн абааһыта моһуоктаан, киһитэ кини буолан уонна табаарыһа кэмигэр түбэһэ кэлэн, нэһиилэ тыыннаах хаалбыт үһү диэни бэркэ соһуйа истибитим. 55 сааһын ааһан эрэр Өлөксөй саҥаран-иҥэрэн дабдыгырайан, күлэн-салан күһүгүрэйэн, кэлэн-баран элэстэнэн, үрдүгэр тиит мас да түстэҕинэ, кыһаллыа суох айылаах бигэ көрүҥнээҕэ. Күһүн ол диэки бара сылдьан Өлөксөй дьиэтин таһыгар турарын көрөммүн «һык» гына түстүм. Хайдах эрэ аччаан хаалбыт курдук, содьороҥноон хаамар, caҥaтa былдьыры соҕус да буоллар, син иһиллэр.
Кырдьык абааһы моһуоктаатаҕа дуу дии санааммын: «Өлөксөй, улаханнык ыалдьан баран, этэҥҥэ өрүттүбүккүн истибитим. Хайдах эмискэ ыалдьан хааллыҥ?» – диэбиппэр, хата, кэпсэтэр киһи кэллэ диэх айылаах, тута дүлүҥ маска олорон, туохха түбэспитин баары-баарынан, ahaҕacтык кэпсээбитинэн барда:
– Дьэ, мин биир саас куолубунан «Улахан Күөл» эбэбэр кустуу бараары бэлэмнэнии бөҕө буоллум. Мончуугум, саам, ботуруонум, таҥаһым-сабым барыта бэлэм. Ойоҕум Маарыйа ас арааһын: эт, халбаһы, бэрэски, алаадьы астаан, үрүксээкпэр укпута. Онтон саамай кылаабынайбын, кылыгыратарбын, туох кистэлэ кэлиэй, дьонтон хаалсымаары, өссө ордоору, дьааһыкка чугаһыыры бэйэм ылбытым. Ойоҕум элбэҕи ылбыккын диэн сөбүлээбэтэх курдук саҥарбытыгар: «Балаҕаммар бэйэм эрэ буолуом дуо, онно сааһыттар, ыалдьыт, xoнoho да кэлээччи. Кинилэр кэллэхтэринэ, саха киһитин сиэринэн күндүлээбэккэ, истиэнэни көрдөрөн олордуом дуо?» – диэтим. Кус көҥүлэ кэлэн, биэс эр бэрдэ кусчуттар, бөлөрүүс тыраахтар сыарҕатыгар олорон, омун-төлөн, кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан, бултуохтаах сирбитигэр айаннаатыбыт. Айаннаан иһэн бары да өрүөллэр, ким биэс куһу биирдэ хоһулатан ытан түһэрбитин, ким тайаҕы, бөрөнү, эһэни дьууктаабытын былдьаһа-тараһа кэпсээн үллэҥнэтии бөҕө буоллубут. Бөһүөлэктэн тахсаат, арыы тыаны aahaaт, сирбитин аһатабыт диэн, аһааһыммыт-сиэһиммит, дьэ, онно саҕаланнаҕа дии. Онтон аны сис ойуурбутугар киирэн, байанайбытын эмиэ аһаттыбыт. Ол кэнниттэн дэриэбинэттэн алта биэрэстэлээх мин өтөхпөр тиийэн аһаатыбыт. Ол аайы аһыы аспытын ким төһөнү сөбүлүүрүнэн куруускаҕа кутта-кутта хантатыы кытаанаҕа. Дьонум айдааран-куйдааран, ол быыһыгар ким эрэ буойсан, салгыы Эбэ диэки айаннаан тирилэтэ турдулар. Мин өтөхпөр кэлбит, дьиэлээх киһи быһыытынан, сээкэйбин өрө тарда, оһохпун оттон киирэ-тахса сырыттахпына, арҕаа баска дурдалаах Уйбааскы кэлээскэлээх матассыыкылынан тирилэтэн кэллэ. Кэлээт, дурдатыгар бараары гыммытын: «Хайдах ohoҕy, өтөҕү аһаппакка барыаххыный, күн киэһэрдэ, кус да көтөрө иһиллибэт, онон хонон баран бар», – диэбиппэр, нэһиилэ хаалла. Ол кэнниттэн аспытын таһааран оһохпутун аһатан, күө-дьаа олорон эрэ аһаатыбыт. Киһим соччо испэт. Онтон мин хотон үлэтиттэн эҥин босхолонон, көҥүл дуолга айылҕаҕа күөлэһийэ кэлбит киһи аһы баҕас аһыыбын.
«Бу үлүгэр кылбайан турары көрөргө да үчүгэйэ сүрдээх, ол аайы миигин аттыбар мөҥөр киһи суох. Онтон куһу баҕас кустаныллыа буоллаҕа», – диибин. Онон Уйбааскыбын тылбар киллэрэн, киһим миэхэ хоно хаалар буолла. Ол киэһэ халлааммыт бэйэтэ да тыалыран хайаан, тымныы, курас баҕайы күн этэ. Мин утуйарбар аттыбар биир бытыылканы ууруммутум. Сарсыарда уһуктан көрбүтүм, бытыылкам бүтэ охсон хаалбыт. Ону муодарҕааммын киһибиттэн: «Эн көҕүрэтистиҥ дуо?» – диэн ыйытаммын, хата, өһүргэтэ сыстым. Сарсыарда туран, төбөм дэлби ыалдьан, салгыы абырахтаннаҕым дии.
– Уйбааскым чэйдээт матассыыкылыгар олорон, арҕаа баар дурдатыгар тиэтэйэ-саарайа бирилэтэ турбута. Мин соҕотоҕун хаалан баран, мончууктарбын туруордум, дурдабын бөхсүйдүм уонна өтөхпөр кэлэн сыттым. Ол быыһыгар илиим бытыылкабар барарын бэйэм да билбэккэ хаалабын. Чэ, ол курдук, дурдам, өтөҕүм икки ардыгар балайда мэскэйдэнэ сырыттым быһыылааҕа. Кэнникинэн хараҥа балаҕаҥҥа түүнүн, күнүһүн да араарбат үлүгэрэ буолла. Хаһыс хонукпар эбитэ буолла... Арай туохтан эрэ соһуйан уһукта биэрдим. Нэһиилэ туран, байааттаҥнаан таһырдьа көҕүрэттинэ таҕыстым. Халлааммыт былыттаах-тыаллаах, бадыа-бүдүө xapaҥa этэ. Улахан тиит анныгар наадабын толунаары чохчойон баран, тураары гынан истэхпинэ, ханна эрэ хаһыы иһилиннэ да, оройбор туох эрэ «лос» гына түспүтүгэр соһуйан, кутталы кытта, нэһиилэ өтөхпөр харбыаластым. Аны ааммын аһаммын киирэн истэхпинэ, кэннибиттэн туох эрэ күтүр баҕайы ситэн ылан харбаата ээ... Киһитэ мин буолан нэһиилэ дьиэбэр киирдим дии санаатым. Ол кэмҥэ өйбөр абааһыттан атыны
Дьэ, күтүр илэ сиэри гынна диэн, уотунан куттаары сап-салыбырас илиибинэн оһоҕум күлүн булкуйан, арыый да балаҕаным иһэ сырдаан ылла. Саатар чүмэчи баара буолуо дии санаабытым, олох да уктубатах эбиппин. Эмиэ сытан уоскуйан, нуктаан эрдэхпинэ, аны түннүгү охсон лабыгыратар тыас иһилиннэ. Мин соһуйан олоро түстүм, көрбүтүм, туох эрэ барыйан туран, тоҥсуйарга дылы. Мэктиэтигэр балаҕаным иһэ барыта бап-барыҥнас күлүк курдук буоларга дылы гынна. Хаһан эрэ истибит, аахпыт абааһыларым бары кэлэн сүөдэҥнэһэргэ, сарбаҥнаһарга дылылар. Онтон хайдах буолбуппун билбэппин. Арай биирдэ көрбүтүм, Уйбааным кэлэн тардыалыы турар эбит. Өндөс гыммыппар, төбөм иһэ куп-куугунас, сүрэҕим мөхсөн бып-быллыгырас.
Киһим мин дурдабар кустар түһэллэрин, мин саам тыаһаабатыттан туох буоллаҕай диэн дьиксинэн, сарсыарда бэрэбиэркэлии кэлбит эбит. Балаҕаммар киирбитэ, мин харахпын тиэрэ көрөн баран: «Абааһы, абааһы», – дии-дии бабыгырыы сытар үһүбүн. Бу киһи сатамматах эбит диэн таҥаһым aaҥҥа кыбыллан турарын ылан, таҥыннаран, кэлээскэтигэр олордон, айаннаан истэҕинэ: «Икки муостаах, aҥaap харахтаах, эриэн абааһы эккирэтэн иһээр, кытаат, түргэтээ», – диир үһүбүн. Онтон дэриэбинэҕэ кэлэн балыыһаҕа киирэн баран: «Дьэ, эдьиийдэр, балыстар, быыһааҥ-абырааҥ, эриэн абааһылар эккирэтэн кэллилэр, сиэри гыннылар», –диэбиппин. Дьэ, иэдээн...
– Онон, дьэ, Уйбааным, хата, кэмигэр аҕалан, эмчиттэрим барахсаттар эмтээннэр бэттэх кэллим. Бастаан сатаан caҥарбaт да, хаампат да буолуталаабытым. Ойоҕум Маайыһым кэлэн ыарыылаан абыраабыта! Кэриэспин эҥин эппит үһүбүн: «Соҕотох хааллаххына xaйдах олороохтуугун? Сүөһүгүн наһаа эһимээр. Саабын улахан уолга биэрээр», – эҥин диэбиппин. Дьэ, буолар да эбит...
Абааһы аһын нahaa аһааммын «гэрээчикэлээн», онтон аны инсуллаан, кырдьык, анараа дойдуга бара сыспыппын. Урут сылдьыбыт, бултаабыт ахан сирбитигэр, эһэбит өтөҕөр хантан абааһы кэлиэй?! Урут xahaн да куттаммат этибит. Бэйэм даҕаны адьарай аһын итинник элбэҕи испэт этим. Бииргэ кустуу барсыбыт дьонум, Уйбаан даҕаны, кус бөҕөнү бултаан, миэхэ эмиэ бэрсибиттэрэ. Испэккэ, наһаалаабакка сырыттахха, бултаан бөҕө буоллаҕа. Былыр биһиги өбүгэлэрбит сирдэрин-уоттарын арыылаах лэппиэскэнэн эбэтэр алаадьынан, кутуу чэйинэн, хамса табаҕынан аһаталлара эбитэ үһү. Биһиги аныгы дьон бэйэбит иһээри-аһаары албаһыран даҕаны, сирбитин-уоппутун арыгынан аһатабыт быһыылаах. Онтон ыла дьэ кэһэйэммин арыгыны амсайа иликпин. Билигин урут бииргэ аһаспыт, арыгылаабыт дьонум дьиэбэр холуочук самньарыһан, сирэй-харах буолан, байааттаҥнаан киирдэхтэринэ: «Пахай, сыккыт-сымаргыт тоҕо куһаҕанай, барыҥ. Мин курдук арыгыгытын бырахтаххытына, бэйэҕит абыраныаххыт. Ас буолбатах, икки муостаах абааһы. Ол иһин да «зубр» эҥин диэн ааттыыллар эбит», – диибин. Билигин күн сирэ күндүтүн дьэ өйдөөммүн, арыгыны олох испэппин. Онтон сиэттэрэн табахпын кытта бырахтым. Ыарыым, хата, ойох көрдүүрбүн ылбатаҕар махтал», – диэн киһим өссө көрүдьүөстэнэр, санаатын түһэрбэт.
Бу дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэ сурулунна.
Татьяна Куличкина-Дедюкина http://kiinkuorat.ru
Аныгы сайдыылаах үйэбитигэр ааспыт xapaҥa үйэттэн итэҕэһэ суох аартык аайы абааһы, өтөх аайы өлүү симиэрдэ үллэҥнэс курдук кэпсииллэр да, арыт-ардыгар киһи бэйэтин иһигэр икки муостаах илэ илиэһэйтэн итэҕэһэ суох киирэн, өйү-санааны үлтү булкуйан кэбиһэрэ баар суол.
Дэриэбинэбит биир биллэр cоҕyc киһитэ Өчөөн Өлөксөйө саас кустуу сылдьан, өтөҕүн абааһыта моһуоктаан, киһитэ кини буолан уонна табаарыһа кэмигэр түбэһэ кэлэн, нэһиилэ тыыннаах хаалбыт үһү диэни бэркэ соһуйа истибитим. 55 сааһын ааһан эрэр Өлөксөй саҥаран-иҥэрэн дабдыгырайан, күлэн-салан күһүгүрэйэн, кэлэн-баран элэстэнэн, үрдүгэр тиит мас да түстэҕинэ, кыһаллыа суох айылаах бигэ көрүҥнээҕэ. Күһүн ол диэки бара сылдьан Өлөксөй дьиэтин таһыгар турарын көрөммүн «һык» гына түстүм. Хайдах эрэ аччаан хаалбыт курдук, содьороҥноон хаамар, caҥaтa былдьыры соҕус да буоллар, син иһиллэр.
Кырдьык абааһы моһуоктаатаҕа дуу дии санааммын: «Өлөксөй, улаханнык ыалдьан баран, этэҥҥэ өрүттүбүккүн истибитим. Хайдах эмискэ ыалдьан хааллыҥ?» – диэбиппэр, хата, кэпсэтэр киһи кэллэ диэх айылаах, тута дүлүҥ маска олорон, туохха түбэспитин баары-баарынан, ahaҕacтык кэпсээбитинэн барда:
– Дьэ, мин биир саас куолубунан «Улахан Күөл» эбэбэр кустуу бараары бэлэмнэнии бөҕө буоллум. Мончуугум, саам, ботуруонум, таҥаһым-сабым барыта бэлэм. Ойоҕум Маарыйа ас арааһын: эт, халбаһы, бэрэски, алаадьы астаан, үрүксээкпэр укпута. Онтон саамай кылаабынайбын, кылыгыратарбын, туох кистэлэ кэлиэй, дьонтон хаалсымаары, өссө ордоору, дьааһыкка чугаһыыры бэйэм ылбытым. Ойоҕум элбэҕи ылбыккын диэн сөбүлээбэтэх курдук саҥарбытыгар: «Балаҕаммар бэйэм эрэ буолуом дуо, онно сааһыттар, ыалдьыт, xoнoho да кэлээччи. Кинилэр кэллэхтэринэ, саха киһитин сиэринэн күндүлээбэккэ, истиэнэни көрдөрөн олордуом дуо?» – диэтим. Кус көҥүлэ кэлэн, биэс эр бэрдэ кусчуттар, бөлөрүүс тыраахтар сыарҕатыгар олорон, омун-төлөн, кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан, бултуохтаах сирбитигэр айаннаатыбыт. Айаннаан иһэн бары да өрүөллэр, ким биэс куһу биирдэ хоһулатан ытан түһэрбитин, ким тайаҕы, бөрөнү, эһэни дьууктаабытын былдьаһа-тараһа кэпсээн үллэҥнэтии бөҕө буоллубут. Бөһүөлэктэн тахсаат, арыы тыаны aahaaт, сирбитин аһатабыт диэн, аһааһыммыт-сиэһиммит, дьэ, онно саҕаланнаҕа дии. Онтон аны сис ойуурбутугар киирэн, байанайбытын эмиэ аһаттыбыт. Ол кэнниттэн дэриэбинэттэн алта биэрэстэлээх мин өтөхпөр тиийэн аһаатыбыт. Ол аайы аһыы аспытын ким төһөнү сөбүлүүрүнэн куруускаҕа кутта-кутта хантатыы кытаанаҕа. Дьонум айдааран-куйдааран, ол быыһыгар ким эрэ буойсан, салгыы Эбэ диэки айаннаан тирилэтэ турдулар. Мин өтөхпөр кэлбит, дьиэлээх киһи быһыытынан, сээкэйбин өрө тарда, оһохпун оттон киирэ-тахса сырыттахпына, арҕаа баска дурдалаах Уйбааскы кэлээскэлээх матассыыкылынан тирилэтэн кэллэ. Кэлээт, дурдатыгар бараары гыммытын: «Хайдах ohoҕy, өтөҕү аһаппакка барыаххыный, күн киэһэрдэ, кус да көтөрө иһиллибэт, онон хонон баран бар», – диэбиппэр, нэһиилэ хаалла. Ол кэнниттэн аспытын таһааран оһохпутун аһатан, күө-дьаа олорон эрэ аһаатыбыт. Киһим соччо испэт. Онтон мин хотон үлэтиттэн эҥин босхолонон, көҥүл дуолга айылҕаҕа күөлэһийэ кэлбит киһи аһы баҕас аһыыбын.
«Бу үлүгэр кылбайан турары көрөргө да үчүгэйэ сүрдээх, ол аайы миигин аттыбар мөҥөр киһи суох. Онтон куһу баҕас кустаныллыа буоллаҕа», – диибин. Онон Уйбааскыбын тылбар киллэрэн, киһим миэхэ хоно хаалар буолла. Ол киэһэ халлааммыт бэйэтэ да тыалыран хайаан, тымныы, курас баҕайы күн этэ. Мин утуйарбар аттыбар биир бытыылканы ууруммутум. Сарсыарда уһуктан көрбүтүм, бытыылкам бүтэ охсон хаалбыт. Ону муодарҕааммын киһибиттэн: «Эн көҕүрэтистиҥ дуо?» – диэн ыйытаммын, хата, өһүргэтэ сыстым. Сарсыарда туран, төбөм дэлби ыалдьан, салгыы абырахтаннаҕым дии.
– Уйбааскым чэйдээт матассыыкылыгар олорон, арҕаа баар дурдатыгар тиэтэйэ-саарайа бирилэтэ турбута. Мин соҕотоҕун хаалан баран, мончууктарбын туруордум, дурдабын бөхсүйдүм уонна өтөхпөр кэлэн сыттым. Ол быыһыгар илиим бытыылкабар барарын бэйэм да билбэккэ хаалабын. Чэ, ол курдук, дурдам, өтөҕүм икки ардыгар балайда мэскэйдэнэ сырыттым быһыылааҕа. Кэнникинэн хараҥа балаҕаҥҥа түүнүн, күнүһүн да араарбат үлүгэрэ буолла. Хаһыс хонукпар эбитэ буолла... Арай туохтан эрэ соһуйан уһукта биэрдим. Нэһиилэ туран, байааттаҥнаан таһырдьа көҕүрэттинэ таҕыстым. Халлааммыт былыттаах-тыаллаах, бадыа-бүдүө xapaҥa этэ. Улахан тиит анныгар наадабын толунаары чохчойон баран, тураары гынан истэхпинэ, ханна эрэ хаһыы иһилиннэ да, оройбор туох эрэ «лос» гына түспүтүгэр соһуйан, кутталы кытта, нэһиилэ өтөхпөр харбыаластым. Аны ааммын аһаммын киирэн истэхпинэ, кэннибиттэн туох эрэ күтүр баҕайы ситэн ылан харбаата ээ... Киһитэ мин буолан нэһиилэ дьиэбэр киирдим дии санаатым. Ол кэмҥэ өйбөр абааһыттан атыны
санаабатаҕым.Дьэ, күтүр илэ сиэри гынна диэн, уотунан куттаары сап-салыбырас илиибинэн оһоҕум күлүн булкуйан, арыый да балаҕаным иһэ сырдаан ылла. Саатар чүмэчи баара буолуо дии санаабытым, олох да уктубатах эбиппин. Эмиэ сытан уоскуйан, нуктаан эрдэхпинэ, аны түннүгү охсон лабыгыратар тыас иһилиннэ. Мин соһуйан олоро түстүм, көрбүтүм, туох эрэ барыйан туран, тоҥсуйарга дылы. Мэктиэтигэр балаҕаным иһэ барыта бап-барыҥнас күлүк курдук буоларга дылы гынна. Хаһан эрэ истибит, аахпыт абааһыларым бары кэлэн сүөдэҥнэһэргэ, сарбаҥнаһарга дылылар. Онтон хайдах буолбуппун билбэппин. Арай биирдэ көрбүтүм, Уйбааным кэлэн тардыалыы турар эбит. Өндөс гыммыппар, төбөм иһэ куп-куугунас, сүрэҕим мөхсөн бып-быллыгырас.