Главная / Кэпсээннэр / Алаҥха (Дьиҥнээх олохтон кэпсээн)
Добавить комментарий
Алаҥха Байбал бүгүн өтөҕүттэн чугас турар дэриэбинэҕэ тиэлиэгэлээх атынан киирэ сылдьан лааппыттан соруктааҕын барытын атыыласта. Чэйэ, табааҕа, бурдуга-иктэтэ, кыраһыына, испиискэтэ, ону кытары били ойоҕун сакааһын: араас матырыйааллаах миэтэрэлээх таҥаһын аатын умна сыһа-сыһа, атыыһыт дьахтар көмөтүнэн син барытын ылла курдук. Уончалаах уола үлэспитин эмиэ. Атыытын барытын тэлиэгэтигэр тиэнэн баран, аны арыгы лааппытыгар охсуллан биир иһит испиир ылынна. Онтон анды хоргунунан биспэтэҕэ ырааппыт буолан, аалыллан биир тэҥник кыыкырдыыр көлүөһэтин тыаһыгар уйдаран нуктуох курдук куоҕаҥнаан иһэн, аара суолга үс аттаах киһини: Суптугур Уйбааны, Уһуктаах Уоһугу уонна Хаартыһыт Хабырыысканы – бөлүүн күһүҥҥү көччөххө Хара Булгунньах уутугар хонон санаа курдук өлгөмнүк бултуйан, хас биирдиилэрэр сөбүгэр тэскэҕэр бэрэмэдэйдээх иһэллэригэр түбэстэ. Билэр дьонун көрсүбүччэ атын тохтотон, тэлиэгэтиттэн ыстанан түһэн, аанньа утуйбаккалар аттарыттан бэрт ыараханнык түспүт хас биирдиилэрин кытары илии тутуһан дорооболосто. Дьоно туора аты атыҥыраан таныыларын тардыҕата-тардырҕата хантаарыҥныыр аттарын буойа-буойа сиэтэн аҕалан быаларын тэлиэгэ ойоҕосторун уонна кэннин туорайыгар иилэ быраҕаат туомтуу тартылар. Ол кэннэ төрдүөн суол кытыытыгар сытар дүлүҥҥэ олорон саппыйаларыттан мохуоркаларын кымаахтаан ыла-ыла: ким хамсатыгар симинэн, ким хаһыат тобоҕор эринэн сынньана, налыччы табаах тарда таарыйа буолары-буолбаты сэлэстилэр. – Хайа-а, Уйбаан аҕаҥ саата билигин да туһалыыр эбит дуу? Бу сааны мин кыра сырыттахпына аҕам аҕыйах күн уларсан эмиэ баччаларга кус бөҕө сиэппитэ. Онно саатын соболоҥор сүүрбэччэ көҕөнү, моонньоҕону, халбаны, мородуну илдьэн биэрбиттээх, – Алаҥха Баһылай оҕо сааһын санаппыт эргэ, икки уостаах сомуоктаах сааны ылан ойуутун сирийэн көрө-көрө бакыр-икир тарбахтарынан имэрийдэ-томоруйда. – Онно мин аҕабын сайыһан эһиэхэ барса сылдьыбыттааҕым. Оччолорго өссө биир кыра уҥуохтаах кырдьаҕас эмээхсин баарын өйдүүбүн. – Ээ, ол аҕам ийэтин этэҕин. Эбэм эмээхсин сүүс алтатыгар сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан, түөһэйбэккэ өлбүтэ, – Суптугур Уйбаан умнубута ырааппыт эбэтин санаан ылла. – Эһэм оҕонньор бастакы ойоҕо өлбүтүн кэннэ, биир оҕолоох огдообо хаалбыт киһи Бүлүүгэ киирэн хайа эрэ уҥуоргу нэһилиэктэн сүгүннэрэн аҕалбыта үһү. – Хайа Байбал, эн обургу ыт тириитэ таҥастаан, онтон ойоххор саҥыйах, бэргэһэ, үтүлүк, таҥас арааһын тиктэрэн атыылаан, сураҕа, ааккын билбэт буола байбыт үһүгүн дии, – Хаартыһыт Хабырыыска идэтинэн үгэргээн киирэн барда. – Харчы ханыылаһарын сөбүлүүр. Эбинэ таарыйа хаартылыаххын. Өйүүн бу Уһуктаахха оонньуу буолар. Онно кэлбэккин дуо? – Бу да киһи саҥардаҕыҥ олуонатын. Ол хантан элбэх харчыланыам баарай? Айахпытыгар эбилик буолаарай диэн муҥнанабын буоллаҕа, сааһырбыт, кыра оҕолоох киһи, – Алаҥха эдьикти кэрэ оһуордаах эриллэҕэс саа сомуоктарын туруора-түһэрэ олорон хардарар. – Үйэбэр хаартыны илиибэр туппатах баҕайым. Абааһыны баран, дьэ кэлэн хаартыһыт буолан туран кэлиэм дуо?! Дьоҥҥо күлүүгэ бараары. – Байбал баайа элбэх. Ынах-сүөһүтэ, сылгыта, ыта-куһа, ытын тириитэ... – Суптугур Уйбаан тииһин быыһынан атаҕын ыккардыгар силлээн чыырк гынна. – Кэппиэйкэтэ элбэх киһи кэмчиэрийэр идэлээх дииллэр. Быһайын ыһыахха көрдөххө, ойоҕуҥ үрүҥ көмүс илин-кэлин кэбиһэрэ, бөҕөҕө, ытарҕата-биһилэҕэ элбэҕэ бэрдэ. Баай киһи кэргэнэ диэх курдук. Ону мин эрэ бэлиэтии көрбөтүм ини. Ыһыахха сылдьыбыт киһи эрэ барыта эн ойоҕуҥ көмүс симэҕэр хараҕа хатаммыт этэ. Үрүҥ көмүс элбэҕиттэн сылыктаатахха, кыһыл да көмүс аҕыйаҕа суоһа буолуо.
– Бу да дьон. Бүгүн кэлэн туох ааттаах мин баайбын хаһыстыгыт. Ыһыахха ойоҕум дойдутуттан бэйэтин кытта аҕалбыт симэҕин кэтэ сылдьыбыта. Дьонуттан хаалбыт баар суох өйдөбүнньүк баайа-дуола да диэн ити эрэ. Оттон ыт тириитэ таҥастаан төһө элбэҕи эбиниэҥий. Аҕыйах бытархай сыыһын мунньунан бу кыһыҥҥы аспын булунан истэҕим, – Алаҥха дьоно солуута суох баайынан баайсан, сиэри таһынан олус үгэргээн-хооһурҕаан киирэн барбыттарыттан ытырыттаран кырдьыгын этинэ сатаата. – Бурдук, чэй-табаах, туус-саахар, аҕыйах арсыын сыыһа ама баай буоллаҕай. Арай былыргы баайдар үйэлэрин тухары ыраахтааҕы кыһыл көмүс эмпирийээл харчытын сундууктарын түгэҕэр мунньаллар үһү диэни истэр этим. Ол аатырдар-сураҕырдар харчыларын сорох киһи көрбөтөҕө. Сураҕын эрэ истиллээччи. – Дьэ Байбал, адьас даҕаны эстэн-быстан олорор киһилии кэп туоннуҥ дии, – Уһуктаах Уоһук умуллубут хамсатын соппойон оборбохтоот, таас хамсатын күлүн тэбээн сэрэнэн олорор дүлүҥэр тоҥсуйан тобугуратта. – Таах хаалар туһата суох кумаахы харчыгын сундууккар сытыта сытыма Байбал. Өйүүн кырдьык Уһуктаахха кэлээр эрэ. Баҕардар Чиэрбэ Хотуна барахсан мичик гыннаҕына, ааккын билбэт буолуо байыаҥ, – Хаартыһыт халы-мааргытык тылласта уонна бэрди эттим диэбиттии күлэн алларастаабытыгар айаҕын иһигэр ахсааннаах, абына-табына ыыс араҕас тииһэ ардьайан көһүннэ. – Харчылаах киһи кэлэрин иһиттэхтэринэ хаартыһыттар обургулар истэ-билэ охсон, собулҕаҕа мустар суор-тураах курдук ыраахтан-чугастан дьэ мустааччылар, – Суптугур Уйбаан киһилэрэ хаарты оонньуутугар кэл дииллэрин сөбүлэспэтиттэн, дьикти баҕайытык ыараан хаалбыт сирэйдээх-харахтаах олорон бүтэҥи куолаһынан сөҥөдүйдэ. – Чэ ол миигинэ да суох мэҥиэ буолар киһитэ булунуҥ, – күлүү-элэк курдук кэпсэтэн барбыттарыттан өлө өһүргэммит Байбал, манан кэпсэтии бүттэ диэбиттии ойон турда. Дьоно кини кэнниттэн кэлэн эр-биир аттарын сүөрбүттэрин кэннэ тэлиэгэтигэр олордо уонна салгыы кыыкырдатан-иикирдэтэн балаҕанын диэкки айанныы турда. Ити курдук аара суолга, Булгунньахтаах аартыгар көрсүбүт түөрт киһи – соччо тыл тылларыгар киирсибэккэ, оччолооҕу кэпсэппэккэ, ону ааһан хайдах эрэ түгэхтээх уонна үгэргэһиилээх соҕустук, истиҥэ суохтук тыллаһан араҕыстылар. Алаҥха Байбал дьиэ кэргэнин туһугар бүгүн киэһэ алдьархайдаах ыарахан кэпсэтии буолуохтааҕын, күнэ ааҕыллыбытын сүрэҕинэн сэрэйэн да көрбөккө, дьоно солуута суохтарын бэркиһээбититтэн, бэйэтэ да дьиэлээн иһэр буолан соруттарыыта суох хааман иһэр атын чыпчырына-чыпчырына, суолтатыгар муоһатынан самыыга охсон тиэтэппитэ буолла. Атырдьах ыйын бүтүүтэ, халлаан эрдэ лаппа хараҥар буолбутун кэннэ үс хара күлүк мастар быыстарынан үөмэн күлүкүчүһэн кэлэн үрэх үрдүгэр ырааһыйаҕа турар балаҕаны чуҥнаатылар. Ол кэмҥэ биирдэрэ, уһун синньигэс уҥуох сула киһи, икки уостаах эргэ саатын бүлгү тутан сүнньүөҕүнэн иитиллибит ботуруоннары халтаҥ сонун тас сиэбиттэн эр-биир тарбахтарыгар кыбытан ылан уоһугар үөрүйэхтик угаат сомуоктарын тыаһа суох сэрэнэн туруортаата. Онтон этэрбэһин төбөтүгэр дугунан, тыаһа суох сыбдыйан тиийэн уот кыламныыр түннүгүн анныгар чохчойон олордо. Ол кэмҥэ иккис, эт лахса киһи хараҥаҕа аны ким эрэ көрүө диэбиттии, куска үөмэрдии туттан тахсар аан ойоҕоһугар биир уостаах саатын бэлэмнии тутан истиэнэҕэ көхсүнэн сыста турунан кэбистэ. Үһүс, арыый этиргэн көрүҥнээхтэрэ икки уостаах саатын ииттэн бэлэмнии туппутунан, оргууй чохчоҥолоон нөҥүө түннүк аттыгар тыһа-ууһа суох кирийдэ. Ити кэмҥэ саалаах киһи сэрэнэн дьиэ иһигэр ким ханна олорорун көрөөрү түннүгүнэн өҥөҥнөөтө, оттон бүтэһиктээх быһаары ылыммыттыы эмискэ чиккэс гына туран кэллэ, итиэннэ кыраһыын лаампа уотугар төгүрүк остуолга аһыы олорор саастаах киһини түннүк нөҥүө биир-биэс тыла суох төбөтүн хампы ытта.
Бүтэҥитик саа тыаһа хабыллаатын дьиэ иһигэр дьахтар сарылыыра-часкыйара, оҕо ытыыр саҥата балаҕан иһин толордо. Ол ыккардыгар ыал ийэтэ өй ыла охсон кыраһыын лаампаны умулуннараат, силбэһэ турар хотонунан куотардыы уолун кыбыммытынан хотоҥҥо ыстанна. Ити кэмҥэ иккиһин саа тыаһаата. Ону кытары саппыкылаах киһи тутуу былдьаһан хотон ааныгар сүүрэр тыаһа тыбыгыраата. Атах тыаһын истибит, тыын тыыҥҥа харбаһар түгэнэ кэлбитин өйдөөбүт дьахтар үргүлдьү хотон түгэҕэр сүүрэн тиийэн, харытынан хотон үс туруорбах маһын хоҥнору анньаат истиэнэ быыһынан сылыпыс гынна уонна уолун соспутунан үрэх диэкки куотта. Хотон муннугуттан сырсан тахсыбыт саалаах киһи тура биэрээт сүүрэн иһэр дьахтары умса ытта, ол кэмҥэ тахсар ааҥҥа кэтэбилгэ турбут киһийдэх, халлаантан түспүтэ биллибэккэ биирдэ баар буола түстэ уонна куотан эрэр уончалаах уол оҕону сүнньүөх иитиилээх биир уостаах саатынан тутуу былдьаһан түҥнэри ытан кэбистэ. Ол кэннэ өлө сытар муҥнаахтар тыыннаахтарын-өлбүттэрин билээри үһүөн сүүрэн тиийэн, тыын быһаҕаһа тыына-тыына субу дьаһайталаабыт дьонун, эдэрчи дьахтар эрэйдээх уонна уончалаах уол муҥнаах өссө да сойо илик өлүктэрин өҥөйөн турдулар. Ол ыккардыгар биирдэстэрэ этэрбэһин оһуттан харыс уһуннаах быһаҕын ороон ылла уонна ситэри тыыннарын салҕаан быһаҕын угун төрдүгэр диэри сүрэхтэрин туһаайыытынан батарыта угаттаата. Уонна уол оҕо ырбаахытыгар быһаҕын хаанын кичэйэн сотон баран кыыныгар уктан кэбистэ. Саа тыаһыттан, бэл диэтэр, дьиэлээхтэр кырдьаҕас ыттара соһуйан саатар биирдэ «оҥ» диэбэтэ, далга кэбинэ сытар ынахтара тыастан-уустан үргүбэтилэр, тыа саҕатыгар соҕуруу көтөөрү үөрдүспүт суор-тураах да түүлүн быыһыгар аймаммата. Иһиллээбит курдук уу-чуумпу. Бэл толору ый бүгүн кэлэн былыт кэтэҕэр саспыт. Куомуннаспыт курдук. Дьэ буолар да эбит. Арай үрэх үрдүгэр киэҥ толооҥҥо сырдык таҥастаах оҕо уонна дьахтар бу сирдээҕи олохтон олус хомолтолоохтук матан, хагдарыйбыт оту хаһан да ыыппаттык тарбахтарын быыһыгар хам тутан, сэймэктэнэн хаан-билик буолан сыталлара ыраахтан куобах түүтүнүү туртайар уонна күһүҥҥү сөрүүҥҥэ сып-сылаас хаан буруолуура барбах көстөр. Балаҕан иһигэр үс өлөрүөхсүт субу баһа хампы ытыллан өлбүт, мэйиитэ ыһыллан сытар киһиттэн куттаммакка, инчэҕэйтэн уонна киһи хаанын, мэйиитин сытыттан сиргэммэккэ үрдүнэн атыллыы сылдьан харчы, дьахтар араас көмүс киэргэлин көрдөөн ботур-итир кэпсэтэ-кэпсэтэ дьиэлээхтэр малларын-салларын сүргэйэллэрин күһүҥҥү хараҥа мэлдьэһэрдии саба тутан, сир-халлаан хонноҕор-быттыгар ситэри кистээн кэбистэ...
Муттуххай БОРОҤ. 09.05.2017. Бэрэ түөлбэтэ. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ.
Халыҥ айыы, хара буруй.