Кэпсээ
Войти Регистрация

Митэрэпээн кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээннэр / Митэрэпээн кэпсээннэрэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
01.11.2024 23:50
62 0

Автор: Баба5а Баатыр - 26 апреля 2020 20:20

Быйыл дойдуга дьиибэ согус саас кэлэн эрэр. Митэрэпээн дойду оностон олорор сирэ тэhэ да сабардамынан кыратын иhин, анара хаарынан ,онтон согуруу эттэ хара буорунан кэрэ сытар. Митэрэпээн оройуон кииниттэн хоту ,отут километрдаах нэhилиэктэн оройуон киинигэр киирэн бултуурга куhэлиннэ. Дойдута хаарынан кэрэ сытар, этэр ууллара да биллибэт курдук, тоноруу кэмэ кэлэн турар. Онон дьонугар,ийэтин,агатын кэрэ таарыйа оройуон киинигэр убайыгар ыалдьыттаан бултуур санаалаах. Атын эбитэ буоллар доготторо киниэхэ тахсан бултуохтаах этилэр. Эрэбуллээх. субуотага тубэhиннэрэн, саатын сэбин тэринэн дьонугар киирдэ. Агата огонньор уола кэлбитигэр уэрэн мичик гына-гына олохтоох сонунтан быhа тардан кэпсии олордо. Кини кэпсээнинэн кустар кэлэн баран хоту тымныйан,хаардаан кэбиспитинэн хара буордаах сиринэн хаптаран тэттэру таары кэтэ сылдьаллар , уу олох суох буолан Куэллэр мууhунан кэрэ сыталлар уhу. Убайа Буэтур бултуур куэлугэр тахсыбыт ,кэллэгинэ эйуэлээх тиийдин диэбит. Массыынатын собуоттаан урут оллооннонор сирдэригэр тиийбитэ. Уот оттуллан ,мас умайан буппут .чогун урдугэр уулаах чаанньык оргуйан уута уолан бутэн эрэр эбит. Ким да суох, куэлун корутэлээтэ да мууhунан кэрэ сытар.Соhуйда дьонун кэтэhэргэ сананна.Ол олордогуна уэhээ бааhынага саа тыаhа иhилиннэ,ол диэки хайыhан халлаан диэки эрэ кэрбутэ.икки кус аргаа диэки кэтэ турдулар. Саха киhитэ кыраттан да уэрэр. Айылгага тахсан ,сибиэhэй салгынынан тыынан кус кэрэн хайдах эрэ санаата кэнньуэрэн кэтэгуллэн кэллэ. Саатын хаатыттан ороон иитиннэ.Син балачча кэтэстэ тулуйбакка дьонун массыыналарын суолун батыhан бурдук ыhар бааhынага тахсан кэллэ. Арай дьоно хатын мастаах хоруллубакка хаалбыт арыы муннугар кыра бадараан уута тахсыбытыгар дурда тута сылдьаллар эбит.Дьиибэргээтэ. .Куока диэн кыра эрдэгиттэн убай оностубут киhитэ,Быара суох кулэ туhэр гына ол –бу тугэнтэн кэрудьуэhун булан таhаарар булугас эйдээх.,сытыы тыллаах догоро айага хам буолбакка кэпсэлин того тардан кэбистэ.Тонук иннинэ агыйах кус кэлбитэ,куэллэргэ буолбатах,бу курдук уулаах бадараанна туhэ сылдьаллар уhу "УУбут кыра багайы ,саанан ыттахха курдаттыы тэбэ сылдьыыhы..Хайдах бултуубут"- диэн толкуйга туhуу , тугу да гымматахха ,таах олорон биэрииhибит диэн буолла Арай салапаанынан уубут сирэйин кэнэтэн биэрдэххэ хайдах буолуой диэн этии куэрэйэн та5ыста..Эр гыныахпыт дуо.Дьиэлэрбититтэн эргэ огуруот салапааннарын таhааран.уубут сирэйэ кэниирин курдук бадарраанна тэлгэтэн кэбистибит.Тыал урбэтин уонна мончуук оруолун толордун диэн урдутугэр бадараантан кус мотчууга онорон ,тэбэтугэр сылгы саагын тэбэ онорон уурталаан кэбистибит. Харанага барсыа диэн буолла.Митэрэпээни кытта Миисэ диэн саната суох гынан баран,иhигэр наар кулэ-уэрэ сылдьар.туттубута-уурбута барыта орун –оннугар буолар.дуоспуруннаах эппит тылыгар турар эрэллээх табаарыhын кытары манна бултаан диэн баран убайдарбыт » Эбэ» син –биир ордук буолуо диэн онно бултуу киирдилэр.Били Горбачев арыгыны утары охсуhар кэмэ буолан,урукку курдук буолбакка хайдах эрэ уку –суку буолуох курдук.Арай Миисэтэ муннун анныгар, кинийэнэн ырыа ыллыы- ыллыы дурда иhигэр тургэн улугэрдик эйуэтун таhааран аhыырга бэлэм гына тардан кэбистэ.Икки эттугэр кэрдэгунэ ордук куруускалары туруортаан кэбиспит.Сатана уола учугэй астаах буолла5а диэн Митэрэпээн иhигэр сэмээр кэтэстэ..Арай киhитэ оллоон диэки баран,уот чогун туора тарыйталаан баран,лаппааакы ылан буору хаста онтон огнетушитель корпуhун таhаарбытыгар, алдьархайдаах амырыын сыт Митэрэпээн муннугар саба биэрдэ.Быраага эрэ сыталлар эбит. Икки хонуктаа5ыта уот оттон баран, ол анныгар хаалларан кэбиспитэр.Бэгэhээ уу кэрийэ таарыйа,эмиэ уот оттубуттар.Ситэн ас бэ5э буолан сытар эбит.Дьэ Митэрэпээннээх иккилии куруусканы иhээт эрэ халлыгырыы тустулэр.Учугэйдик аhыах дьону,ус чыккымай кэлэн,олох дурдаларын анныгар туhэн кэбистилэр.Эр- биир утары олорор кустарын тогута ытан кэбистилэр.Уhус кустарын иккис уостарынан тэбис тэннэ куэрэтэн туhэрдилэр.Эрэ- кэрэ тустулэр..Ама ханнык да Саха киhитигэр маннайгы кус диэн эмиэ туhугар туохтан да кунду буоллага. Маннайгы куhу бэлиэтээн баран, дьэ кэбис аспытын тохтотуохха дэстибит.Онтон сарсыарда.,били салапааммытыгар,кустар туhэн баран халтарыйан эрэ таhылла туhэллэр.Бэрт нэhиилэ тирэнэллэр, халтарыйан эмиэ тиэрэ баран туhэллэр.Дьэ биhиги тиэрэ туhэ сытар кустары ытан куhуй да куhуй. Ол туун биhиги уон икки кустанныбыт.Убайдарбыт сарсынны кунугэр биhигини утуруйэн кэбистилэр. Ити саас балачча кустаатыбыт,сотору кэминэн куэллэр аhылланнан онно киирдибит.

Добавить комментарий