Кэпсээ
Войти Регистрация

Мин мантан "сэриигэ" барбытым

Главная / Кэпсээ / Мин мантан "сэриигэ" барбытым

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
02.11.2024 11:54
4k 0

An image to describe postАвтор: Хомустан 26 июля 2013 01:40

Эбэбин кытта сып-сап покалаһаат таһырдьа ыстаммытым. Эбэм хараҕын уутун тулуйар кыах суоҕа. Эбэм эрэйдээх киһини өйдүөхпүттэн биһигинниин олорбута. Онон биир саамай чугас киһим этэ. Итинник аймаммытын урут көрө илигим. Убайдарым армияҕа, үөрэххэ бараллара да итинник буолбат этэ. Билиҥҥи өйбүнэн толкуйдаатахпына; ийэм баарыгар барарбытыгар-кэлэрбитигэр баардылаабат бэйэтэ – бэйэлэрэ, оҕолордуун, хаалбыттарыттан тулаайахсыйбыт-аймаммыт буолуохтаах. Сарсыардааҥҥы дьыбардаах салгын уйадыйбыт санаабын сайҕыырдыы сирэйбэр утары оҕуста. Халлаан сырдаан эрэрэ. Түүн кыратык кыраһалаабыт. Үрүйэ уҥуор турар Павликтаах дьиэлэрэ уоттаммыт. Уопсайынан оһохтор турбаларын буруота ырааппыт. Саһаан аччаабытын көрөөт:

  • Ээ убайым кэлиэр дылы тиийиэ, муустара баар, олороллор ини – диэн бэйэм-бэйэбэр. Убайым армияттан сотору кэлиэхтээх. Арба, военкоматка убайбынан киирэн ыытымаары гыммыттарыгар:
  • Сотору кэлэр, мин сылбын сүтэриэхпин баҕарбаппын – диэн көрдөһөн бу баран иһэбин. Оччотооҕу эдэр киһи армияҕа булгу сылдьыахтаах курдук этэ. Барбатах киһи “инбэлиит” курдук көрүллэрэ. Үрүсээкпин сүгэн, саллайбыт истээх киирсэ саппыкыбын соһон олбуортан тахсан маҕаһыын диэки халтырыйа-халтырыйа хаама турдум. Маҕаһыын аттыгар Бииктэрээх Коля кэтэһэн тураллар.
  • Хайа ноо, хааман иһиий! Хаала сыыстыҥ дии – дэһэ тоһуйдулар.
  • Ээ массыына суох буолбат дуо?
  • Кэлэн сапыраапкалана ааста. Үргүлдьү ылаары гыммытын – эйигин суох диэн хааллыбыт. Хата, Байбааскы буолан айдаарбата. Сотору кэлиэ. Хайа ыллыҥ дуо?
  • Ылан буоллаҕа дии, онтон эһиги?
  • Биһиэнэ да баар. Хайдах кузовка көннөрү барыллыай? Ол икки ардыгар массыына бу хорус гына түстэ.
  • Хайа саллааттар бэлэмҥит дуо? Үөһэ тахсан куулларга олорооруҥ. Армиялыыбыт диэҥҥит ыалдьа сытаайаҕытый – дии-дии Байбааскы подножкаҕа туран күлэн лаһыгыратар. Кузовка тахсан кууллары мунньан олорунан кэбистибит. Уонна айаннаатахпыт дии. Олорон иһэн көртүм оҕолор хосторун түннүгэ уоттаммыт этэ. Ол аата эбэм оҕолору оскуоларыгар туруортаабыт. Массыына түүҥҥү тибиини тибилитэн дэриэбинэттэн тахсан тилигирии турда.
  • Аны икки сылынан эргиллиэхпит – диэн, бары ба5а санаабытын, сүтэн эрэр дэриэбинэ дьиэлэрин көрөн олорон. Ол олорон олохпут атын эргииргэ киирбитин билбэтэхпит чуолкай.
  • Чэ ол туһугар иһиэххэйиҥ – ити Бииктэр. Түргэн соҕустук буокка хостонон куруускаларга кулугураата
  • Эргиллэр туһугар! – дии-дии аһыырҕата-аһыырҕата анараа атаарыы буолла. Хас биирдиибит иһигэр тугу санаабыта буолла. Мин харахпар эбээм көстөн ааспыта.
  • Этэҥҥэ эргиллээриҥ! – диэбиттии тоҥ тиит төбөтүттэн атыыр куртуйах төҥкөйөн одуулуу хаалбыта. Өр гыммакка үрэххэ тилигирэтэн тиийдибит. Үрэх тоҥо сытар. Арай бэҕэһээ дуу, бөөлүүн дуу массыына тоһоон ааспыт суола көстөр. Ол да тоҥмут. Массыына кыратык тохтуу түһээт үрэх диэки ыстанан кэбистэ. Инерциятынан үрэх ортотугар дылы мууһу күрдьэн киирдэ уонна онно турунан кэбистэ. Харахаланнахпыт ол! Иннинэн да кэннинэн да барар кыаҕа суох буолла. Кабинаттан Байбааскы тахсан кэллэ.
  • Бэҕэһээ манан ааспытым ээ. Бөөлүүн лаппа тоҥорбут эбит. Мин дэриэбинэлээтим. Тыраахтара суох тахсыбат. Эһиги ол ампаарга тахсан кэтэһиҥ. Баҕар уҥуортан массыына кэлиэ оччоҕо барсыаххыт буоллаҕа – диэтэ да дэриэбинэ диэки кэккэлэтэ турда. Быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу кузовтан түһэн ампаарга бардыбыт. Муус лаппа халыҥ быһыылаах тыаһаабат да. Урут суолга, үрэхтэргэ иҥин, “дорожнайдар” ампаардара диэн бааллара. Ампаар тимир оһохтоох буолааччы. Ампаарга киирэн оһох оттон быргытан кэбистибит. Күө-дьаа буолан, били аспытын аһыы олордохпутуна аан аһыллан кэллэ. Туманы кытта биир киһи дьиэ ортотугар баар буола түстэ.
  • Хайа нохоолор уҥуор массыына кэллэ, барсыбаккыт дуо? Төннөөрү турар. Саллааттар бааллар диэн тохтоттулар. Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии хомунан таһырдьа ыстанныбыт. Тахсыбыппыт уҥуор биир Газ-51 кэлэн турар. Үрэҕи туораан, эмиэ кузовка ыттан хачыгыраһыы буолла. Ол курдук айаннаан эбиэт саҕана остолобуой иннигэр,орто холуочук дьон, баар буола түстүбүт. Дьэ эбиэт кэннэ сүүрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Военкоматка тиийэн сарсын сарсыардааҥҥы рейсынан долгуйар Дьокуускайга көтөрбүтүн биллибит. Уонна сып-сап киллэрэн баттахпытын сүлэн кэбистилэр. Көлүдүөргэ тахсан бэйэ-бэйэбитин көрө-көрө күлсүү бөҕө. Сиэркилэҕэ олох атын дьоннор мөлөһөн көстөллөр. Хонор сири военкоматтар сразу быһаардылар.
  • Ким хонор дьиэтэ суох манна залга хонуоххутун сөп. Киэһэ охранник кэлэр – кини көрүөҕэ. Биһиги манна хонордуу сананныбыт. Били рюкзактаах аспыт тэһитэ кэйиэлээбитэ ыраатта. Аны комсомолга киирии хаалла.
  • Комсомола суох дьону стройбатка ыытыахтара – диэн военкоматка куттууллар. Киирэргэ
    тиийиллэр. Оскуолаҕа сылдьан хайдах эрэ киирбэккэ хаалбыппыт. Уонна онно достойнай эрэ дьону ылаллара. Комсомолга күүстээх бэлэминэн киирэллэрэ. Арааста ол да иһин, сүрэҕэлдьээн иҥин, киирбэтэх буолуохтаахпыт. Биһиги кылаастан кыргыттар эрэ киирбиттэрэ. Комсомол устаабын ааҕа-ааҕа переживайдыылларын өйдүүбүн. Фотографияҕа баран үнүр түспүт хаартыскабытын көрдөөн буллубут. Дьэ уонна райкомолбутугар бардыбыт. Дойдубутуттан, одноклассницаларбытыттан, рекомендация иҥин бөҕө укта сылдьабыт. Эбиитин кыргыттар хайдах эппиэттииргэ үөрэппиттэрэ. Коляны билбэппин, Бииктэр биһикки оннук этибит. Коля биһигини кытта үөрэнэн иһэн бэһис кылааска хаалбыта. Кини оскуолатын быйыл бүтэрбитэ. Кылааһын оҕолоро кинини да хааччыйдылар ини. Онон тэринии кытаанаҕа. Оройуон биир саамай былаастаах тэрилтэтин аанын аһан килэйбит-халайбыт көлүдүөргэ биирдэ баар буолан хааллыбыт. Ол саҕана оройуоҥҥа биир эрэ таас дьиэ баара. Ол райком уонна райкомол дьиэтэ. Биһиги маннык уораҕайга урут сылдьыбатах урааҥхайдар буоллахпыт дии. Килэйбит паркетка тиэриилээх саппыкылаах киирэн турар тараҕай төбөлөөх, тэлигириэйкэлээх молохочуостары хараххытыгар ойуулаан көрүҥ эрэ. Билиҥҥиннэн дьулаан көстүү. Эбиитин перегарбыт сыта ханна барбыт үһү. Вахтёр биһигини көрөн устуулуттан суулла сыыста.
  • Манна тугу гына кэллигит? – диэн вахтёр тойоргуу тоһуйда. Тойоттор вахтёрдара мордьуос буолан биэрдэ.
  • Онтон, онтон комсомолга киирэ кэллибит – Бииктэр мэктиэтигэр кэлэҕэйдээн ылла. Баспытыттан-атахпытыгар дылы сирийэ көрүтэлээн баран телефон үөһэ түстэ.
  • Манна комсомолга киирэ кэлбиттэр, хайыыбын – уонна ыйытар курдук көрүтэлээтэ.
  • Армияҕа бараары сылдьабыт – дэстибит.
  • Армиялаары сылдьаллар үһү, сөп – аһардыам – диэн баран телефонун талыр гыннара уурда.
  • Итинэн иккис этээскэ тахсыҥ, онно көрсүөхтэрэ – диэн баран, кэпсэтии бүппүтүн көрдөрөн, хаһыатын үрдүгэр түстэ. Үһүөн хочугураһан кирилиэһинэн иккис этээскэ таҕыстыбыт. Утары биир эдэр кыыс көрүстэ.
  • Хайа, оҕолор хантан сылдьаҕыт? Биһиги хантан сылдьарбытын эттибит.
  • Манна киириҥ – диэн биир кабинетка киллэрдэ. Киирбиппит син кэҥэс хоско үс-хас остуол турар. Хоско биһигини көрсүбүт кыыстан ураты икки кыыс бааллар. Утары биһигиттэн эрэ саастаах кыыс остуолтан туран кэллэ.
  • Оҕолор ааһыҥ, манна олоруҥ – диэн үөрэ-көтө устууллары ыйан көрдөрдө. - Дьэ сөпкө быһаарыммыккыт, армияҕа комсомола суох барар куһаҕан. Дөкүмүөннэргитин аҕалыҥ эрэ. Хаһан барар буоллугут? Биһиги били рекомендацияларбытын кытта хаартыскабытын биэрдибит.
  • Сарсын самолетунан Дьокуускайдыыбыт – диэтим.
  • Чэ оҕолор итиннэ көрүдүөргэ тахсан кэтэһэ түһүҥ, сотору ыҥырыахпыт. Көлүдүөргэ тахсан кэтэһии буолла.
  • Ноо, устаабы иҥин ыйыталаһаллара буолуо дуо?
  • Дьэ билбит суох, үнүр уолаттар ону-маны ыйыталаспаттар диэх курдук кэпсииллэрэ – диэтэ Бииктэр. Сүүрбэччэ мүнүүтэ кэтэспиппит кэннэ били биһигини көлүдүөргэ көрсүбүт кыыс тахсан ыҥыран киллэрдэ.
  • Дьэ оҕолор эһиги ыраата баран эрэргитин өйдөөн Раиса Васильевна комсомолга быһа ыларга быһаарда. Онон эһигини Саха комсомолугар киирбиккитинэн эҕэрдэлиибин! Аны эһиги комсомол чилиэнэҕит. Бүгүҥҥэттэн эһиги олоххутугар комсомол диэн тыл мээнэ тыл буолбат! Эһиги түөскүтүгэр комсомол значога, сүрэххитигэр комсомол билиэтэ баар буолла! Эһиги армияҕа Саха комсолун аатын түһэн биэриэххит суоҕа диэн эрэнэбит! Ыарахан кэмнэргитигэр эһигини кытта комсомол баар буолуоҕа! Этэҥҥэ сылдьаҥ, дойдугутугар эргиллээриҥ! – диэн алҕаан туран түөспүтүгэр Ленин ойуулаах комсомол значогун ыйаата уонна кыһыл билиэти туттартаата. Комсомол чилиэнэ буоллахпыт ол. Ити алҕаабыттарын курдук Саха комсомолун аатын түһэн биэрбэтэхпит. Кырдьык, ыарахан кэмнэрбэр ол комсомолга киириим көстөн кэлэрэ. Оччоҕо хайдах эрэ чэпчээбит курдук буоларым. Оччолорго дьэ уйаммыт-хатаммыт быһаарыллар кэмэ-кэрдиитэ ыган кэлбитин билбэт этибит, сэрэйбэтэх да буолуохтаахпыт. Ити, дэриэбинэбититтэн ырааппатах оҕолор, ыраатан эрэрбитин да долоҕойбутугар оҕустарбатахпыт... Райкомолтан тахсан остулубуойбутугар бардыбыт. Аһаан, эбиитин ас атыылаһан военкоматпытыгар бардыбыт. Тиийбиппит үлэ чааһа бүтэн харабынай эрэ хаалбыт этэ. Уонна эмиэ бэйэбит курдук үс нуучча уолаттара бааллара. Биһигини көрөөт үөрдүлэр ахан. Онно өйдөөн көрбүппүт тохсус кылаас кэннэ НВП-га, полигонҥа бииргэ сылдьыбыт уолаттарбыт эбиттэр. Кыратык НВП туһунан кэпсээн ааһыым. Урут оскуолаҕа “Начальная военная подготовка” диэн ыччакка улахан наадалаах предмет баара. Ол предметы тохсус-онус кылаастар үөрэтэллэрэ. НВП-га үөрэнэр оҕолор бары биир формалаах этибит. Тохсус кылаас кэннэ биир нэдиэлэ полигон(полевые лагеря) диэн баара. Онно чугастааҕы оскуолаттан уолаттары мунньан үөрэтэллэрэ. Армия олоҕор олох чугас буолара. Онно армияттан саҥа кэлбит уолаттар сержанныыллара. Армияттан кэлэн баран мин эмиэ сержаннаан сылдьыбыттааҕым. Быһата бу үөрэх биһиэхэ армияҕа сылдьарбытыгар улахан көмө
    буолбута. Эппиһиэрдэр саха уолаттарын:
  • Дьиҥнээх саллааттар, ыл да саа туттардыҥ да бүтэр – диэн хайгыылларын элбэхтэ истибитим. Дьэ ол иһин биһигини саллаат гына үөрэппит военруктарбытыгар барҕа махтал! Кинилэр үөрэхтэрэ элбэхтик туһалаабыта. Ол киэһэни алтыа буолан аһыы-аһыы, кэпсэтэ-кэпсэтэ бэркэ атаарбыппыт. Биһиги да, нууччаларбыт да “хаһааспыт” син баардыҥыта. Көҥүл олохпут бүтэһик киэһэтэ итинник түмүктэммитэ.

Сарсыныгар ЯК-40 сөмүлүөт сып-сап көтөн Дьокуускай эбэ хотуну булларбыта. Киэһэлик сборнай пуунҥа, куулга балыгы толору хаалаабыт курдук, дьонунан туолбут дьиэҕэ баар буолбуппут. Биһигини сыалай түөрдуонча киһини ол дьиэҕэ хаалаабыттара. Тыһыынчаннан киһини биир дьиэҕэ хаалаабыттара айдаан-куйдаан бөҕө. Онно биһиги иннинээҕи потоктар кытта сыталлара. Онон билэр да оҕолорбут син бааллара. Ол түүнү охсуһан туораатыбыт. Били ыы-быччары хоско киирэн – биир орон аҥарын былдьаһа-тарыһа буллубут. Саҥа миэстэбитин булан олорон эрдэхпитинэ түгэх диэки айдаан бөҕө буола түстэ. Биир Битээкэ диэн оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолбут ынарааттан сүүрэн таҕыста.

  • Сахалар нууччалары кэһэтиҥ! Киэптииллэр! Иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии түгэх диэки сыҕарыйдыбыт. Утары ынараа диэкиттэн лимонад бытыылкалара көтөллөр. Сорохторо ороҥҥо түһэн бытарыс гыналлар. Биримээнэ атаакаҕа киирэн иһэр курдук. Түгэҕи булуохпутугар дылы дьыала бүппүт этэ. Нууччалар түннүгү алдьатан таһырдьа куоппут этилэр. Сонно тута милииссийэлэр кэлтэрэ. Барыбытын таһырдьа таһаартара, стройдатан баран силиэстийэ саҕаламмыта. Ону-барытын суруйдахха ыраатар, түмүгэр барыбытыттан биэстии солкуобай ыстыраап төлөппүттэрэ. Арай, киһи үөрэрэ, астынара биир баара. Бандьыыттары көрдөөһүн үгэннээн турара. Бары да гестапоҕа түбэспит молодой гвардиялар курдукпут. Билинэр киһи баара көстүбэт этэ. Арай ол кэмҥэ аан аһан көлүдүөртэн биир хайа саҕа киһи киирэн кэллэ. Көрбүппүт саха эбит. Биримээнэ –икки миэтэрэ баҕас холку баар этэ.
  • Айыка! Мэлдьэһэн бүтүҥ! Бары ыстыраапкытын төлөөҥ! – диэн баран солуур саҕа сутуругун остуолга уурда. Ыстыраап төлөөн тахсан баран сөҕүү-махтайыы бөҕө.
  • Дьэ сахаҕа да үчүгэй уолаттар бааллар эбит – дэһэбит. Сарсыныгар мед. комиссияны аастыбыт. Киэһээҥҥи разводка миигин уолаттарбыттан атын командаҕа араардылар. Ол маннык этэ. Киэһээ сэттэ чааска плацка развод буолла. Барыбытын стройдатан туран испииһэк ааҕаллар. Ааттаммыт тахсан иһэр. Испииһэк туоллаҕына сакаасчык ол дьонун батыһыннаран атын дьиэҕэ илдьэр. Бастаан флоттары сүүрбэччэ киһини ыллылар. Онтон эмиэ хас да команда барда. Бүгүн хаалар буоллубут дии саныы турдахпытына биир командаҕа миигин ааттаатылар. Уолаттарым санныга таптайан эрэ хааллылар. Били бииргэ барыах буолбуппут хааллаҕа ол. Биир кыһыл погоннаах сержант батыһыннаран атын дьиэҕэ илтэ. Дьиэҕэ киллэрэн байыаннай билиэппитинэн бэрибиэркэлээтэ. Сороҕор атын киһи дөкүмүөнэ барсар эбит.
  • Мин сержант Моргачёв диэммин. Туох боппуруостааххыт?
  • Товарищ сержант биһиги ханна барабытый?
  • Воовще-то байыаннай кистэлэҥ, ол да буоллар этиим Туркменияҕа – диир күлэ-күлэ.
  • Хаһан барабыт?
  • Сарсыарда портка киириэхпит.
  • Ынараа сээкэйбит хаалбыт баран ылабыт дуо?
  • Таак, оруобуна чаас аҥара биэрэбин баран кэлэргитигэр –чаһыытын көрө-көрө. Этэн бүтэ илигинэ элэс гынныбыт. Ынтах тиийтим уолаттарым бааллар эбит, бүгүҥҥү күҥҥэ хаалбыттар.
  • Туркменияҕа барар буоллум. Бары бииргэ барыахпыт диэбиппит хааллаҕа ити – били байыаннай кистэлэҥмин ыһа-тоҕо оҕустум.
  • Чааскыттан суруйаар. Биһигини бииргэ ыытыах буолтара. Фамилиябыт уонна дэриэбинэбит биирэ оруолу оонньоото быһыылаах. – диир Бииктэр.
  • Чэ ничего аны икки сылынан көрсүөхпүт – диибин, уйадыйбыппын биллэримээри.
  • Оннук, оннук.
  • Покаларыҥ уолаттар, биэрбит бириэмэлэрэ бүттэ – диэн сып-сап покаластым. Дьиҥэр бириэмэ син баар курдуга да – хайдах эрэ хараастыбыт этим. Ити мин бастакы сирбиттэн-дойдубуттан, дьоммуттан-сэргэбиттэн тэйиим этэ. Уонна урут хаһан маннык арахсыбытым баарай, кэнэним да турдаҕа. Билиҥҥим дуу, арыый уопутурбутум кэннэ эбитэ буоллар сыллаһан-куустуһан арахсыа этибит. Ол кэмҥэ армия олоҕо биһигини хаттаан холбуон хантан билиэхпитий. Чэ ону кэлин бэйэтин кэмигэр. Дьиҥэр итиннэ сборнайга да, мин да командабар билэр уолаттарым элбэхтэрэ. Ону буккуйумаары пока ааттаталаабаппын. Бириэмэлэригэр киирэн иһиэхтэрэ. Сарсыныгар, күнүс, көтөр аал долгуйар Дьокуускай куораттан көтөн – туран соҕуруулуу-илин диэки күпсүйэ турбута. Байыаннай кистэлэҥмит кистэлэҥэ регистрация эрэ кэмигэр биллибитэ. Хабааровскайдыыр эбиппит! Хас да сиргэ пересадкалаан киэһэ хойут Хабаровскайы булбуппут. Хаардаах, отучча кыраадыс тымныы Дьокуускайтан уонча кыраадыс сылаас куоратыгар баар буолан хаалбыппыт. От-мас саҥа саһаран эрэрэ. Асфальга күнүскү ардахтан чалбах сытара.
    Ону көрөн үөрэ санаатым. Харахпар Бииктэр көстөн кэллэ:
  • Ханна тиийиэхпит биллибэт, онон истээх саппыкыта кэтээриҥ! “Бииктэрдэрэ” суох уолаттар хаатыҥканнан сылдьаллара. Чалбах кэллэҕинэ ону тумна сатыыллара. Ол курдук айаннаан өйүүнүгэр Приморьеҕа баар буолбуппут. Көрбөтөхпүтүн көрдүбүт, билбэтэхпитин биллибит. Килэйбит-халайбыт куораттар, быстыбыт-остубут станциялар, хайалар-стептэр, хараҥа түүннэр, ликсийэр пуойастар. Мин налыы сиргэ үөскээбит киһиэхэ тимир суол суол кытыытыгар баар сымара хайалар дьикти этилэр. Ол быыһыгар уйаара-кэйээрэ көстүбэт стептэр. Түүнүн хараҥата эмиэ салыннарда. Хайдах да көрө сатаабыт иһин аттыгар турар киһи олох көстүбэт. Маны этээ эрдэхтэрэ – ытыс таһынар хараҥа диэн. Күннэрэ көрөн турдаххына киирэр. Уонна хараҥа сатыылыыр. Быһата – түүн хоско уоту араарбыт курдук. Суол кытыытыгар баар куораттар дэриэбинэ киһитигэр килэһэн сүрдээхтэр. Ол быыһыгар олбуора сууллан хаалбыт, ыһыллыбыт тоҕуллубут, кир-хах буолбут станциялар. От-мас өссө да күөх турара. Дууб мастар саҥа саһарбыт этилэр. Чааспытыгар түүн тиийбиппит. Биир аанын үрдүгэр 1937 диэн суруктаах хаһаарымаҕа киллэрэн муостаҕа утуттулар. Сассыарда уһуктубуппут биһиги иннибитинэ барбыт саха уолаттара манна бааллар эбит. Форма кэппиттэр. Хайдах эрэ бары биир буолан хаалбыттар. Үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Мин кэннэ оскуолаҕа үөрэммит Дьууруй диэн уол эмиэ баар эбит. Өссө да билэр уолаттарым бааллар эбит. Сууммут-тарааммыт кэннэ стройдатан остулубуойга илтилэр. Тарааммыт диэн наһаалаатым быһыылаах, ханнааҕы баттахпытын тарааныахпытый. Солдаткай остулубуой диэннэрин илэ көрүү саҕаланна. Уһун уон киһи батар остуоллара кэккэлээбиттэр. Икки өттүгэр скамейкалар тураллар. Остуолга улахан алюминевай чаанньык, эмиэ оннук көстүрүүлэ турар. Остуол аҥар баһыгар уон лакированнай курууска турар. Остуол ортотугар уон быһыы гына быһыллыбыт үрүҥ килиэп бухааҥката, уонна эмиэ оччо хара килиэп бааллар. Аттыгар улахан фонарик батареятын аҥаардаабыт саҕа арыы бочоноктара кэккэлээбиттэр. Арба уонна тэлиэркэҕэ селёдка баара. Көстүрүүлэҕэ көөнньөрбөҕө майгыннаах хааһы көстөр. Онон манан сибиинньэ сыата баар быһыылаах. Кэлин ити хааһы “сечка” диэн ааттааҕын билбитим. Дьэ киирэн биир остуолга олордубут ээ. Аччык дьон былдьаһа-тарыһа үллэстэн аһаан бардахпыт дии. Биһиги обургулар дьиэбитигэр курдук оргууй-наллаан аһыах буолбуппут уонча мүнүүтэннэн ойутан туруоран таһырдьа кыйдаатылар. Успейдаан арыылаах килиэппин эрэ сиэн хааллым. Били “көөнньөрбөм” остуолга туран хаалта. Аһылык кэннэ аҕалбыт сержаммыт батыһыннаран “хочугуратан” штабка илтэ. Дьэ манна биирдэ биллибит – туох чааска кэлбиппитин. Чааспыт учебнай, сержанскай оскуола (учебка) эбит. Ол иһин сержанскай лычкалаах салдаат бөҕө хаамсар эбит. Сааскы призывтар өссө да чаастарыгар барбакка сылдьаллар эбит. Дьэ штабка биир-биир ыҥыран киллэрэн кэпсэтии ыыттылар.
  • Табаарыс призывник биһиги чааспыт көннөрү чаас буолбатах – алын командирскай составы үөрэтэр чаас. Манна алта ый үөрэнэн сержант буолан тахсаҕын. Боростуой чаастааҕар манна ыарахан буолуо. Сассыардаттан киэһээҥҥэ дылы муштра буолуо. Оннук эрэ гынан сержаннар иитиллэн тахсаллар. Сөбүлэспэт буоллаххына бүгүн атын чааска көһөрүөхпүт – диэн биир кавказ сырайдаах капитан тоокколосто. Мин дьиҥэр сержан буолар санаам суоҕа да уолаттарбыттан арахсыахпын баҕарбатаҕым. Билиҥҥи өйбүнэн баҕар сөбүлэһиэ суоҕум буолуо.
  • Сөбүлэһэбин – диэтим. Илии баттатан баран аан диэки ыйан кэбистилэр. Тахсыбыппар уолаттар:
  • Хайа сөбүлэстиҥ дуо? – дии тоһуйдулар. Онно биир уол аккаастанан атын чааска барта. Сааһыары полигонҥа стрельба кэмигэр көрсөн турабыт. Эбиэккэ дылы штаб аттыгар сырыттыбыт. Отучча киһини кытта собеседование ыытыахтарыгар дылы син бириэмэ барбыт этэ. Хата ол олорон кэлбит сирбитин көрдүбүт. Сопкалар быыстарыгар турар чаас эбит. Сирэ “Падь кочевное” – диэн ааттаах эбит. Биһиги “Кочевка” – диирбит. Чаас турар сопката олох мас диэн суох тараҕай сопка эбит. Тыал түстэҕинэ көҥүл көрүлүүр сирэ. Кыһын ону эппитинэн билбиппит. Атын сопкалар син мас үүммүт курдук көстөллөр. Арай соҕуруу диэки сопка үрдүгэр пограничнай вышка көстөр. Түөрт хаһаарыма, штаб, учебнай корпус, эппиһиэрискэй дьиэ, саллааскай кулууп, остолобуой, маҕаһыын, ыскылааттар, баанньык, плац, автопарк уонна стрельбище бааллар эбит. Итини барытын кэлин билтим. Пока билэрим хоммут хаһаарымам, остолобуой уонна штаб. Атыттарын кыралаан кэпсээн иһиэм. Эбиэт кэннэ эмиэ батыһыннаран хочугуратан остолобуойтан чугас аппа нөҥүө турар ыскылаакка илтилэр. Ол аайы старшина бэйэтэ илтэ. Арба,биһигини хоммут хаһаарымабытыгар олохтоотулар. Ыскылаатка тиийэн биир-биир киллэрэн форма биэрдилэр. Туох баар таҥаспытын размерынан биэрдилэр. Онно өйдөөбүтүм атаҕым размерыттан атыны билбэт эбиппин. Атын таҥаспын хата ыскылаат тойоно прапорщик
    ыйан биэрдэ. Кэлин кэппитим олох миэхэ тигиллибит курдук этэ. Оннук размерынан биэрэллэрин уонна көрбөтөҕүм. Кэлиҥҥи чааспар ахсаанын эрэ биэрэллэрэ. Размерыгар ким да кыһаммат этэ. Сороҕор биэс уон бүтэһик размеры да пачканнан быраҕан биэрдэхтэринэ көҥүлэ. Оннук бэриллибит форманы ушивайдаан сордонор этибит. Урут инньэ диэни туппатах дьоҥҥо туһугар кыһалҕа этэ. Туох баар таҥаспытын кууспутунан баанньыкка бардыбыт. Билбэтим, атын чаастарга, урут-кэлин хайдаҕын – ол эрэн мин сылдьыбыт икки чааспар иккиэннэригэр итии уу суоҕун тэҥэ этэ. Чэ, саҥаттан саҕалыым. Бары хочугураһан туспа турар баанньык дьиэҕэ киирдибит.
  • Хас биирдиигит туох наадалааххытын барытын түннүккэ туттарыҥ. Формаҕыт үрдүгэр байыаннай билиэккитин ууруҥ - отуо таҕыстаххытына булуоххут суоҕа – диэн старшина дьаһайда. Сыгынньахтанан, эппиттэрин курдук формабыт үөһэ билиэппитин ууран баран сууна киирдибит. Дьэ тымныы ууннан чалбааттаныы буолла. Төһө да баҕарбыт иһин дьоҕойон илиттинии эрэ буолла. Суунан тахсыбыппыт бэйэбит таҥаспыт сүппүт этэ. Онон билиэппитинэн формабытын булан кэттибит. Били иҥин араас таҥастаах дьон бары биир буола түстүбүт. Хаһаарымаҕа тиийбиппит биир киэҥ күөх харахтаах, кыра горбинкалаах муруннаах, кэтит квадратнай сыҥаахтаах синиэллээх, бэргэһэтин ыга кэппит лейтенант, икки илиитин синиэлин сиэбигэр батары симэн баран, төттөрү-таары хаама сылдьар.

Биһигини көрөн үөрэргэ дылы гынна. Арааста биһиги суунан кэлэрбитин кэтэһэ сылдьыбыт быһыылаах. Старшина биһигини тохтотоот, хаҥас диэки эргилиннэрэн, чиккэтэн баран дакылааттыы сүүрдэ.

  • Табаарыс лейтенант саҥа пополненияны баанньыктан аҕаллым – диэтэ.
  • Здравствуйте товарищи! Мөлтөх соҕус хорунан, НВП үөрэммиппитинэн:
  • Здравия желаем товарищ лейтенант! – диэн ыыра бардыбыт.
  • Вольно!
  • Вольно! – диэн старшина хатылаата.
  • Дьэ табаарыстар ханна кэлбиккитин билэҕит дуо? Эһиги укреп райоҥҥа (УР) аналлаах сержанскай учебнай чааска кэллигит. Бүгүҥҥэттэн бастакы учебнай рота курсаннара буолаҕыт. Мин бу рота замполита лейтенант Приходько диэммин – диэн баран эргиччи көрүтэлээн кэбистэ. Онтон омуна суох чаас аҥара ыарахан сулууспа туһунан тыл эттэ. Бүтэһигэр хараҕа кэҥээн, куолаһа титирээн:
  • Если всколыхнёться – илиитинэн Кытай диэки ыйа-ыйа– Ванька с водокачки к вам на помощь не придёт! – диэн түмүктээтэ. Кэлин ити бүтэһик тираданы элбэхтик истибитим. Сороҕор:
  • Если всколыхнёться – диэтэҕинэ рота барыта:
  • Ванька с водокачки – диирэ. Оччоҕо астыммыттыы:
  • Да-да Ванька к вам на помощь не придёт! – диирэ. Кэлин СПТУ-га үөрэммитэ буола сылдьан биир уолу көрсөн турабын. Уолаттардыын аргылыы сылдьан Дьокуускай авиапордугар киирдибит. Үөһээ этээскэ скамейкаҕа кэпсэтэ олордохпутуна аттыбытыгар дембельлэр кэлэн олордулар. Арай биир сержан сыбаанньалаах уол кэпсэлэ-ипсэлэ бөҕө. Онтон билэр баҕайы тирадабын саҥаран барбат дуо!
  • Если всколыхнёться - Ванька с водокачки к вам на помощь не придёт! Олох соһуйан ойон туртум. Онтум оруобуна ол мин суолбунан сылдьыбыт уол эбит этэ. Дьэ оннук. Билигин да, бу манна, бу тираданы өйдөөччү баара буолуо. Дьэ онтон казармаҕа киирэн погон, петлица, шеврон тиктиитигэр түстүбүт. Били биһиги иннинэ кэлбиттэр былыыр погоннанан килбэҥнэһэ сылдьаллар. Киэһээ аһылыкка дылы гимнастеркабыт погонун уонна петлицатын нэһиилэ успейдаатыбыт. Тигэн сордонон сержанҥа проверкалатабыт. Онтукабытын линейканнан кэмниир.
  • Сыыһа, көннөр! – диэн баран быһаҕынан сиикпитин быһа сотон иһэр. Кэлин өйдөөбүтүм үксэ воспитательнай да сыаллаах быһыылаах. Арба, мин бастакы взводка түбэстим. Отделениям командира командировкаҕа барбыт. Онон замкомвзвод старшай сержант Лузгин бэйэтэ көрөр. Хайа омугун билигин да билбэппин. Сырайа хараҕа армян-армянынан. Ол гынан баран аата нууччалыы. Киэһээ аһылык кэннэ подшивка тиктэргэ үөрэннибит, үөрэниэхпит эрэ дуо тигиннэхпит дии. Икки сылы быһа күн аайы төһөлөөх подшивка тиктибиппит буолуой. Арааста элбэх маҥан таҥас суох буоллаҕа эбээт. Дьэ арыый бириэмэлэнэн кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буоллубут. Субу-субу таһырдьа тахсан баанкалаах баахсаннан саппыкыбытын ыраастан да ыраастан. Киэһээҥҥи поверкаҕа бэлэмнэнэр үһүбүт. Кырдьык киэһээҥҥи поверкаҕа подшивкабытын, саппыкыбытын бэрибиэркэлээбиттэрэ. Армияҕа бастакы күнүм уһуун да уһуун күн этэ. Поверка кэннэ дьэ отбой буолла. Сытан иһэн дьиэбин саныыр санаалааҕым... Ороҥҥо сытан эрдэхпинэ – уже: “Подьем” диэн хаһыытаан хайа барбыттара. Бастакы санаам:”бэрибиэркэ” диэх курдуга. Онтум уже сассыарда буолбут этэ. Уһун түүн итинник кылгас буоларын билбэт этим. Аан үрдүгэр ыйанан турар электроннай чаһыы алта чааһы көрдөрөн турара.
  • Пять минут на туалет,
    а через пять минут построение на зарядку! Форма одежды номер один – диэн команданы истээт сып-сап таҥнан туалетка сүүрдүбүт. Чэпчэтинэн кэлэрбит саҕана хаһаарыма иннигэр стройдата оҕустулар. Дьэ уонна сүүрдүбүт! Гравий суол устун сопка үрдүн диэки сүүрэн тэбэ турдубут. Оскуола кэннэ сүүрэн көрбөтөх киһи уҥа быһыытыйбытым кэннэ биирдэ тохтотон хаамтардылар. Онтон тохтотон зарядка оҥортордулар. Онтон эмиэ төттөрү сүүрүү буолла. Үчүгэйэ диэн бу сырыыга сыыртан түһүү буолла. Аны кэлбиппитигэр орон оҥоруута күүтэн турара. Ол эмиэ биир күүстээх үлэ этэ. Бастаан көрдөрөн биэрэн баран хомуйарга үөрэттилэр. Сыыһа хомуйбуту хастыы тардан иккистээн хомуттараллар. Аны көбүөр суорҕан полоскаларын тэҥнэтэллэр. Хаһаарыма биир баһыттан иккис баһыгар дылы сап тартаран баран онон кэмнииллэр. Полоскаҥ кыраннан да сыыһа буоллаҕына эмиэ саҥаттан бараҕын. Сыттыгы эмиэ тэҥниибит. Хата сыттык тэҥнээһинэ чэпчэки буолан абыраата. Дьэ ол кэннэ биирдэ суунан тараанан аһыы бардыбыт. Аһылык кэннэ стройдатан учебнай корпуска бардыбыт. Эбиэккэ дылы устаап үөрэтэн таҕыстыбыт. Эбиэт кэннэ аны шинельбит погоннарын, шевровннарын, петлитцаларын тигиннибит. Арба, сассыарда эмиэ саҥа призывниктар кэлбиттэр этэ. Эмиэ сахалар. Билэр да уолаттарым бааллара. Эмиэ бэҕэһээҥҥи курдук батыһыннаран хочугурата сылдьаллара. Суолбут тус-туһунан буолан киэһээҥҥэ дылы кэпсэппэтибит даҕаны. Итинник майгыннаһар күннэр аастар-ааһан истилэр. Күн аайы саҥаттан-саҥа призывниктар кэлэн иһэллэр. Чааспыт үс учебнай ротаттан, үс учебнай батареяттан уонна рота учебных боевых машин (РУБМ) турар эбит. Бастакы алта өйдөнөр буоллаҕына РУБМ диэн тугуй диэххитин сөп. Дьэ итиннэ хаһаайыстыбанньыктар мунньустан сулууспалыыр сирдэрэ. Сибээстэр, суоппардар, хачыгаардар, почтальоннар, повардар, ыскылааччыттар, сибиинньэ көрөөччүлэр – быһата чааска баар хара үлэни үлэлээччилэр.Кинилэр итиннэ постоянно сулууспалыыллар. Онтон атыттар алталыы ый үөрэнэ-үөрэнэ атын чаастарга айанныы тураллар. Биһиги – эмиэ саҥа призыв курсаннар кэллэхпит. Онтон туох специальноска үөрэтэллэрин бэйэбит да билбэппит. Пока “курс молодого бойца” барабыт. Сыыйа-баайа ротабыт да, батальон да туолан барда. Омуктарынан көрдөххө нууччалар уонна сахалар эрэ этибит. Барыта чугастааҕылары – Амурскайдары, Хабаровскайдары, Приморскайдары, Магаданнары, Сахалары хомуйбуттар этэ. Батальон аҥара сахалар этибит. Киһи күһүҥҥү призывы барытын манна аҕалбыттар дуу диэх курдук. Биһиги хаһаарымабыт аҥарыгар иккис рота баар. Онон биирдии хаһаарымаҕа иккилии рота, батарея бааллар эбит. Нэдиэлэ курдук буолбуппут кэннэ, биир сассыарда, эмиэ остолобуойтан стройунан төннөн истибит. Хаһаарымабытыгар чугаһаабыппыт кэннэ утары эмиэ, саҥа кэлбит, саха уолаттарын батыһыннаран хочугуратан иһэллэрин көрүстүбүт. Аасыһан иһэн көрбүтүм, били Дьокуускайга хаалбыт, Бииктэрдээх Колям бу мэлтэһэн аастылар. Уолаттар далбаатаныы бөҕө. Мин уже формалаах кырдьаҕас саллаат курдукпун. Кинилэр далбаатаналлара көҥүл буоллаҕына – миэхэ стройга иһэр киһиэхэ бобуулаах буоллаҕа. Дьэ итинник, үнүр икки сылынан көрсүөх буолбут уолаттарбын көрөн ыгыччы үөрдүм. Бииргэ улааппыт уолаттарбынаан биир чааска сулууспалыыр буолбуппут. Ол киэһэ көрсүбэтэхпит. Ханна да баалларын билбэт этим уонна бастакы күн бириэмэлэрэ суоҕун бэйэм пратикабыттан билэрим. Сарсыныгар киэһэ быыс булан кэлэ сылдьыбыттара. Үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут.Кинилэр биһиги ханна тохтообуппутун көрбүт буолан судургутук булбуттар. Мин кинилэри көрдөөн хаһаарымалары барытын кэрийээри сылдьыбытым. Дьэ итинник – дьылҕа ыраах Приморьеҕа илдьэн көрсүһүннэрбитэ. Уолаттар сборнайга нэдиэлэ сыппыттар этэ. Иккиэн биир фамилиялаах, биир дэриэбинэттэн буолан бырааттыыбыт диэбиттэрин иһин ханна да араарбатахтар. Бэл биир взводка түбэспиттэр. Учебка кэннэ эмиэ бииргэ сылдьыбыттара. Киэһэ сынньалаҥ кэмҥэ уолаттардыын көлүдүөргэ олордохпуна Забаровскай диэн Амма уола киирэн:
  • Ноо, эйиэхэ земляктарыҥ кэллилэр, тахсар үһүгүн – диэтэ. Тахсыбытым Бииктэрдээх Коля кэлэн кэтэһэн тураллар эбит.
  • Оо, уолаттар! Манна кэлэн көрсүөм дии санаабатаҕым! Бэҕэһээ көрөн баран соһуйбутум ахан! Хата, хайдах буллугут? Мин хаһаарымалары кэрийэ бараары сылдьыбытым.
  • Ээ бэҕэһээ ханна тохтообуккутун көрбүппүт. Сып-сап табаахтыы-табаахтыы кэпсэтэн бардыбыт. Саллаат киһиэхэ бириэмэ ыгым буоллаҕа дии.
  • Ноо, били 10“в”-га үөрэммит Өлүөсэни билэҕин дуо? – диэн Бииктэр ыйытта.
  • Били улахан, хара уолу этэҕин дуо?
  • Кини, кини. Кини эмиэ манна баар ээ!
  • Ханна?
  • Онтон биһиги батареяҕа. Бастакы батареяҕа.
  • Онтон биһиэхэ били Боккуо быраата Дьууруй баар, өссө Радик баар. Өйдүүгүт – бэһис кылааска Өлүөхүмэттэн кэлэн үөрэммитэ дии! “Муруку” диэн ааттыырбыт дии.
  • Хайа ноо барыбытын манна муспуттар буолбат дуо?
  • Оннук! Чэ, мин киирэн таһаартыам. Уолаттар үөрүөхтэрэ – диэн баран
    хаһаарымаҕа ыстанным. Уолаттарбын ыҥыртаан таһааран эмиэ үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Эппитим курдук – бириэмэ ыгым буолан уолаттар сотору бартара. Ити курдук күнтэн-күн үөрэххэ, сүүрүүгэ-көтүүгэ баран испитэ. Ахсынньы ортото присяга ылар күммүт тиийэн кэлбитэ. Тымныы, тыаллаах күн буолбута. Хаар билигин да түспэккэ турара. Ол гынан баран тымныыта сүрдээҕэ. Батальону барытын плацка стройдаппыттара. Тыал синиэллэрбитин тэлимнэтэн олороро. Хас биирдии взвод иннигэр кыһыл сабыылаах остуол баара. Остуолга присяга суруллубут паапката сытара. Биир-биир тахсан ол присяганы ааҕарбыт уонна остуолга биэдэмэскэ илии баттыырбыт. Бэйэтэ эмиэ долгутуулаах кэм буоллаҕа. Ийэ дойдубутугар бэриниилээх буоларга андаҕайбыппыт. Тексын НВП саҕаттан нойусуус да биллэрбин олус долгуйар этим. Ааппын ааттаабыттарыгар:
  • Я! Есть! – диэн баран долгуйан баата буолбут атахпынан лиһир-лаһыр үктэнэн тахсан строй диэки хайыһан туран ааҕан чоргуйан бардым. ВОЕННАЯ ПРИСЯГА СССР Я, гражданин Союза Советских Социалистических Республик, вступая в ряды Вооруженных Сил, принимаю присягу и торжественно клянусь быть честным, храбрым, дисциплинированным, бдительным воином, строго хранить военную и государственную тайну, беспрекословно выполнять все воинские уставы и приказы командиров и начальников. Я клянусь добросовестно изучать военное дело, всемерно беречь военное и народное имущество и до последнего дыхания быть преданным своему Народу, своей Советской Родине и Советскому Правительству. Я всегда готов по приказу Советского Правительства выступить на защиту моей Родины - Союза Советских Социалистических Республик и, как воин Вооруженных Сил, я клянусь защищать ее мужественно, умело, с достоинством и честью, не щадя своей крови и самой жизни для достижения полной победы над врагами. Если же я нарушу эту мою торжественную присягу, то пусть меня постигнет суровая кара советского закона, всеобщая ненависть и презрение трудящихся. Барытын биир тыынынан түһэрэн кэбистим. Онтон илии баттаан, стройга төннөн баран биирдэ дьэ “һуу” диэтим. Аны итиннэ погода туһунан ахтан ааһыым. Ол кыһын Саҥа Дьылга дылы хаардаабатаҕа. Бырааһынньык кэннэ кыралаан хаардыыр буолта да утары ууллан муус буолан иһэрэ. Кыраадыһа минус сүүрбэттэн түспэтэҕэ. Ол гынан баран олус тымныы этэ. Биһиэхэ кыһын ортото отут кыраадыска дэриэбинэ барыта күүлэйдии тахсааччы. Онтон онно минус уоҥҥа да уҥуоҕуҥ силиитигэр дылы үлүйэҕин. Баҕар таҥаспытыттан да буолуо.

Икки чараас кальцону кытта хб туох итиитин тутуохтарай. Арааста сииктээх муора салгына охсоро буолуо. Быһата олус тымныы этэ. Эбиитин хаһаарымалары олох мөлтөхтүк оттоллоро. Хаһаарыма иһэ нэһииччэ уон кыраадыһы өкдөйөрө. Батареялар барбах мүлүгүр буолааччылар. Учебнай корпус туһунан этэ да барбаккын. Кылааска синиэллээх олорон тоҥо олороҕун. Онтон саамай тымныы саллааскай кулууп этэ. Бэргэһэҕин тууна баанан баран тоҥо-тоҥо киинэ көрөрбүт. Баҕар тымныыннан закаляйдыыллара буолуо. Ол эрэн ити оһохтору кыайан оттубаттан этэ. Кыһын ортото биирдэ нэрээккэ хочуолнайга бара сылдьыбытым. Дьэ дьаабы дойду этэ. Сыалай суукканы быһа тоҥон хаалбыт быыл курдук чоҕу тас да тас. Тахсаргар таарыччы шлак таһаараҕын. Түөрт “Универсал-6” котеллар тигинэччи умайаллара да тоҕо эрэ хочуолнай да иһэ тыаллааҕа. Арай ас буһар кэмигэр паровой оһоҕу күүскэ оттоллоро. Быһата дьэ тымныы кыһын этэ. Ол тымныыттан сибээстээх араас барыта баара. Хаһаарымаҕа сушилка диэн суоҕа. Онон ол кыһын инчэҕэй саппыкыннан кыстаабыппыт. Портянканы нэдиэлэ аайы уларыппаттара буоллар эрэй буолуо этэ. Кыһын сөрөкөнү түүн туран бырастыына анныгар тэлгэнэн бэйэбит сылааспытынан куурдарбыт. Доруобай баҕайы нуучча уолаттара тымныыны уйбакка тэллэххэ ииктииллэрэ. Билигин санаатахха ыарахан эбит. Хата кыһына уһаабакка абыраабыта. Саас кулун тутарга лаппа сылыйан таһырдьа ылааҥы күннэр үүммүттэрэ. Ый ортотун диэки сопкаларга ньургуһуннар тахсыбыт этилэр. Дьэ аны туох специальноска үөрэммиппиний. Командир отделения СПГ диэн этэ (Станковыйпротивотанковый гранотомёт). Бэйэтэ добуочча ыйааһыннаах, икки киһи сүгэ сылдьар таанканы ытыалыыр гранотомёт. Расчётка түөрт киһи киирэр. Командир, наводчик, заряжающай уонна подноскик. Снаряда куммулятивнай, выстрел диэн ааттанар. Чэ барытын суруйа олорбоппун. Быһата противотанкист буоллум. Онтон атыттар туохха үөрэммиттэрэй диэтэххэ – сорохтор пулемётчиктар, сорохтор башенниктар(Колялаах), сорохтор казематчиктар. Дьиҥэр учебкабыт укреплённай оройуоннарга(УР) аналлаах этэ. Биһигиттэн уратылар бары УР-га эрэ баар специальностар. Пулемётчиктар – дзоттарга турар пулемёттар специалистара, башенниктар – сир анныттан таанка башнялара быган тураллара – олор специалистара, казематчиктар – хайа сырайыттан бууска уостара быган турар

буолааччылар – олор специалистара. Үөрэтэллэригэр да “оборона” эрэ диэни үөрэтэллэрэ. Наступления диэн суоҕа. Арай биһигини СПГ-стары наступленияҕа үөрэтэллэрэ. Аны санаатахха биһиги специальноспыт араас чаастарга барытыгар наада эбит. Биһигини кытта морпехтпар да, ВДВ-лар да үөрэнэллэрэ. Дьэ ити байыаннай кистэлэҥи кэпсээтим. Онон, сыалай батальон аҥаара сахалар этибит. Атын роталарга, батареяларга хайа оройуонтан баалларын билбэтим, биһиэхэ Өлүөхүмэлэр, Аммалар, Намнар, Бүлүүлэр, Орто Халымалар, Верхоянскайдар, Мэҥэ Хаҥаластар уонна Дьокуускайдар бааллара. Биир Верхоянскайтан сылдьар Стручков диэн кыра баҕайы уол баара.

  • Стручков гражданская специальность?– диэн сержант ыйытар.
  • Шлангист. Нууччалар күлэн охто сыталлар. “Шлангист” – диэн армияҕа сүрэҕэ суохтары ааттыыллар.
  • Что-же специальность?
  • На водовозе шлангу держал! – диэн баран ыраас баҕайынан көрөн кэбиһэр. Дойдутугар уҥуоҕунан кыратын иһин водовозка шлангистаппыттар эбит. Дьокуускайтан биир Коркин диэн – сахалыы билбэт, искэл, үрдүк үөрэхтээх уол баара. Ону биһиги сордуур да этибит. Дьиҥэр мэник-мэнигийээннэр буоллахпыт. Үксүбүт оскуола паартатыттан тахсыбыт оҕолор буоллахпыт.
  • Ты Коркин не якут и не русский! Воовще, человек без национальности – диэн хаадьылыырбыт. Инньэ гынан сахалар да, нууччалар да чугаһаппат этибит. Ротнай запеваланнан мин табаарыһым Радик этэ. Хараххытыгар оҥорон көрүҥ эрэ – сүүс киһилээх рота биир тэҥник үктээн иһэр. Чуор баҕайы куоластаах саха уола ырыаны таһааран иһэр. Көрдүгүт – кэрэ көстүү буолбат дуо? Ол мин табаарыһым – Радик! Утро красит нежным светом Стены древнего Кремля. Просыпается с рассветом Вся советская земля. Холодок бежит за ворот, Шум на улицах сильней. С добрым утром, милый город, Сердце родины моей!

Онтон бүтүн рота барыта:

К*****, Могучая, Никем не победимая, Страна моя, Москва моя, Ты самая любимая!

Астык буолбат дуо? Эбиитин рота улахан аҥара сахалар. Өссө “Хайыһары” ыллаан иһэр ротаны көрбүккүт? Армияҕа сылдьан оннугу эмиэ көрөн турабын. Дэлэҕэ эппиһиэрдэр:

  • Че, китайцы наступают? – диэн ыйыталаһыахтара дуо. Уопсайынан, икки сыл устата элбэх саха уолаттарын кытта сылдьыбытым. Мин билэр уолаттарым атын омук уолаттарыттан хаалсыбаттар этэ, үксүн ордуктар да этэ. Ол саҕана бүтүн уон биэс республикаттан барытыттан сулууспалыыллара. Лисун диэн старшай лейтенант баара.
  • Якуты настоящие солдаты – диэн куруук хайгыыра. Туохха барытыгар саха саллаата инники күөҥҥэ буолааччы. Ытыы туһунан этиллибэт даҕаны. Бэл спортка хаалбат этибит. Биирдэ “подъем переворотом” оҥорууга куоталаһыы буолла. Дьэ батальон барыта спорт площадкаҕа мунньустан биир-биир саҕалаан бардыбыт. Мин бастакы ыйдарга дэлби көтөхтөрөн хаалбытым да буоллар нуорманы биэрдим. Сержаннар эрчиллиилээх буолан киэп-хаап бөҕө. Сүүрбэччэлиини, сүүрбэттэн тахсалыыны син оҥороллор. Онтон Алексеев Киэсэ диэн саха уола таҕыста. Кып-кыра, хап-хатыҥыр. Билбэт киһи:”Нуорманы эрэ” кыайыа дуу, суох дуу диэх курдук. Киһибитин турникка ыйаан кэбистилэр. Уол оргууй аҕай саҕалаан эргичиҥнээн барда. Уон буолла. Сүүрбэ, отут! Батальон барыта эргийэ туран ону эрэ көрөллөр. Били дыгдаҥнаспыт сержаннар кыччаабыт курдук буолбуттар этэ. Онтон бары хорунан ааҕан бардылар. “Түөрдуон, түөрдуон биир, түөрдуон икки!”
  • Алексеев слезай! Хватит! – диэн биир сержант тохтотто. Киһибит сылайбыта-элэйбитэ көстүбэт, арааста өссө да оҥоруох быһыылаах. Саҥа Дьыл иннинэ биир куһаҕан дьыала буолла. Күнүс стрельбищеҕа баран кэллибит. Эбиэт кэннэ автомат ыраастааһына буолла. Сорохтору таһырдьа территория ыраастата таһаардылар. Мин таһырдьааҥҥы хамаандаҕа түбэстим. Туалет аттыгар сыыс хомуйа сырыттахпытына дневальнай уол сүүрэн таҕыста.
  • Киһи сааннан ытынан кэбистэ! – диэн кэлэҕэйдээтэ. Бары хаһаарымаҕа сүүрдүбүт. Ааҥҥа кыбылла-кыбылла киирэн истэхпитинэ таһырдьа үүртэлээтилэр. Онтон сержант Матвеев тахсан барыбытын стройдатта. Арба, ол Матвеев Дьокуускайтан сылдьар нуучча уола.
  • Киһи дэҥнэннэ онон бары учебнай корпуска барабыт – диэтэ да хамаандалаан хаамтара турда. Кэлин билбиппит Хабаровскай диэкиттэн сылдьар ачыкылаах уол ытынан кэбиспит. Биһигини силиэстийэҕэ мэһэйдээбэтиннэр диэн атаарбыттар. Хаһаарымабытыгар түүн кэлбиппит. Ол да буоллар силиэдэбэтэли тумнубатахпыт.
  • Билэр киһиҥ дуо? Тугу кэпсиирэй? Сурук туппута дуо? Настроенията хайдах этэй – диэн түүнү быһа тоокколоспуттара. Көрөн эрэ билэр буолан туох диэмий. Оннук күн-дьыл элээрэн испитэ. Күн аайы үөрэх да үөрэх. Уруоктан-уруок субуруйан иһэрэ. Үөрэхпит күн-түүн ыараан иһэр. Чааһы-чааһынан строевой, күнү-күннүктээн тактика, төбө ыалдьыар дылы теория. Эһиги электричество баҕанатыгар хааман кэлэ-кэлэ дакылааттыыр дьону көрбөтүгүт
    ини. Сыалай чааһы быһа строевойунан хааман кэлэн баҕанаҕа чиэс биэрэ-биэрэ чиккэҥнээһин. Тактикаҕа сороҕор сопкалары штурмалаталлара. “Ураа” хаһыытыы-хаһыытыы сопкаҕа сүүрэрбит. Ортолуу сопкаҕа тахсан истэххинэ атын сопкаттан көрөн турар эппиһиэр плажогунан төбөтүн үрдүгэр далбаатыыр. Ол аата:”Все ко мне” – диэн. Хайыаҥый – төннөргө тиийэҕин. Онтон эмиэ төттөрү “Ураа”! Уопсайынан аҕыйах ыйынан олох атын санаалаах, саҥалаах, туттуулаах-хаптыылаах дьон буолбуппут. Били бастаан көтөхтөрбүппүт ааһан сырай-харах да сырдаабыта. Саҥалаах диэбиккэ дылы – ол баҕас тосту уларыйбыта. Армия тыла официальнай строевой, уставной тылтан уратыта барыта маат. Дьэ хас да этээс маат-куут диэтэҕиҥ. Манна ону санатан мааттыыр киһи кырата күлүгээнистибэҕэ сууттаныа этэ. Онтон санаа туһунан этэр буоллахха күн-аайы бэриллэр информация, үөрэтии ханна барыай. Ол да буоллар син биир сахабытынан хааллахпыт дии. Бириэмэ буллубут да дьиэбитин, дьоммутун ахтан тахсарбыт. Бэл хас да аймаҕым уолаттары булан ылбытым. Иккис ротаҕа сулууспалыыр Амма уолаттара баран куобахха туһах иитэллэрэ. Хаста да сүгэн кэлбиттэрин көрөн турабын. Ол дойду куобаҕа кыра эбит этэ. Быыһыгар Бииктэрдээхпэр тахса сылдьабын. Коля бэл уойбут курдук буолбут этэ. Хаччыланнахпытына “Солдатскай кафеҕа” сылдьарбыт.Онтукабыт остулубуой аҥарыгар баара. Үксүн бирээнньик уонна лимонад ылан сиирбит. Оруобуна биир солкуобайга – биир киилэ бирээнньик уонна биир бытыылка лимонад кэлэрэ. Билигин оччону кыайыам биллибэт. Оччолорго сып-сап салбанан эрэ кэбиһэрбит. Армияҕа барыахпар дылы минньигэһи да, килиэби да улаханнык баардылаабат буоларым. Онно киһи минньигэскэ баҕатыйар эбит. Килиэби эмиэ киһи төһөнү баҕар сиирэ. Сорох уолаттар остолобуойтан сиэптэригэр килиэп аҕалан сииллэрэ. Ол килиэп таскайдааччылар сотору биллибиттэрэ. Стройдаан турааччылары ыстааннарын көрөҕүн. Ыстааннарын сиэбэ баар сиригэр тэһэҕэстээх буолла да килиэп таскайдааччы буолар. Сиэптэригэр килиэп сыта, кыырпахтара хаалар. Түүн крысалар килиэп сиэри ыстааннарын тэһэ кэрбээн киирэллэр. Биирдэ эмит баһыылка кэлэр. Бетоннай капонир иһигэр, кулуһун оттон баран, хампыат, бисиэнньэ симинэ олорор саллааттары хараххытыгар оҥорон көрүҥ! Көрдүгүт? Ити биһиги үһүөн дьонтон кистээн баһыылкабытын арыйан олоробут. Хаһаарыма илтиҥ да амтанын да билбэккэ хаалаҕын. Манна бэйэбит эрэ, бүөмнээн, дойдубутун ахта-ахта аһыы олоробут. Дьэ оннук – кыһалҕа онно-манна үөрэтэр диэтэҕиҥ! Аны нэрээттэр туһунан сэһэргиим. Нэрээт арааһа элбэҕэ. Основнойдара – харабыл, ротаҕа дневальнай дьуһуурустубата, куукуна нэрээтэ, хочуолнай нэрээтэ уонна сибиинньэ көрүү. Онно учебкаҕа да, кэлин войскаҕа да харабылга сылдьыбатаҕым. Ону чиэһинэ билиниэххэ наада. Учебкаҕа дьон элбэх буолан хапсыбатаҕым быһыылааҕа, войскаҕа биһигини харабылга ылбат этилэр. Ротаҕа дьуһуурустубаҕа учебкаҕа сылдьыбатаҕым. Хата ол оннугар войскаҕа төһөтө сылдьыбыппын ким аахпыта баарай. Хал буолуохпар дылы батальонҥа дьурууһунайдаабытым. Хочуолнайга сылдьыбыппын кэпсээн турабын.

Куукунаҕа учебкаҕа иккитэ сылдьыбытым. Бастаан хортуоска ыраастааһыныгар. Түүнү быһа икки баанна (киһи суунар баанната) хортуосканы алта буолан ыраастаабыппыт. Онтукабыт хас куул эбитэ буолла. Дьэ элбиир да буолар эбит этэ. Аһаары гыннахха көстүрүүлэ түгэҕэр биир эмит хортуоска төкүнүйэн сылдьар буолааччы. Онтон биир сырыыга посудомойкаҕа түбэспитим. Киэһэ сэттэттэн аныгыскы киэһэ сэттэҕэ дылы тохтоло суох иһит сууй да сууй! Биир партияны сууйан бүтүүгэр иккис партия кэлэр. Онтон аны аһылык ыган кэлэр. Саамай сынньалаҥ нэрээт сибиинньэ көрүүтэ этэ. Киэһэ тиийбиппитигэр сибиинньэ көрөөччү маны-маннык гынаҕыт диэн көрдөрөн баран сүппүтэ. Арба, тахсаары туран:

  • Төрөөрү сылдьар сибиинньэни манаарыҥ! Төрөөн баран оҕолорун сиэн кээһиэ сэрэнээриҥ! – диэн сэрэппитэ. Биһиги сып-сап аһаталаан баран төрөөрү сылдьар сибиинньэ уйатын аттыгар солуома тэлгээн баран сытынан кэбиспиппит. Хантан маныахпытый? Утуйан оҥторуу диэтэҕиҥ! Сарсыарда уһуктубуппут сибиинньэбит төрөөбүт этэ. Үс эрэ сибиинньэ оҕото сүүрэ сылдьара. Сороҕун сиэбит быһыылааҕа. Хата биһиги дьолбутугар ол күн киһибит кэлбэтэҕэ. Киэһэ саҥа нэрээккэ туттара охсон баран тэскилээбиппит. Дьэ сити курдук сыҕарыйан күн-дьыл ааһан истэ. Саас сылаас салгына биллэн барда. Биир сассыарда улахан айдаанынан туруордулар. Арай эппиһиэрдэр бары бааллар. Биирдэ эмит сассыарда эппиһиэр баар буолааччы. Бу сырыыга бары, эбиитин бары полевой формалаахтар. Сэрээккэҕэ ыыппакка эрэ таһырдьа стройдаттылар. Строй иннигэр лейтенант Приходько хаамыталыыр. Илиитинэн эмиэ Кытай диэки ыйа-ыйа:
  • Табаарыстаар бөөлүүн сэрии саҕаланна! Биһиги дьик гынныбыт. Төһө да сэриигэ үөрэннэрбит оннук сураҕы истиэхпит диэбэккэ турбуппут.
  • Бөөлүүн хаанымсах Кытай сэриилэрэ доҕордуу Вьетнамҥа сэрииннэн түстүлэр! Биһиги сэриилэрбит бастакы бойобуой бэлэмҥэ киирдилэр! – ити курдук биримээнэ чаас аҥардаах тыл эттэ уонна эмиэ били “Ванькатынан” түмүктээтэ. Дьэ арыый “һуу” гынныбыт. Бастаан туттара-хаптара, саҥарара-иҥэрэрэ сибилигин сэрии уотугар умса анньыах курдук туттара. Лекция бүппүтүгэр бүтүн ротаны сопка диэки сүүрдэн тэптэрэ турдулар. Бу сырыыга эппиһиэрдэр бары барыстылар. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ атын роталар, батареялар эмиэ бааллара. Икки сопканы туораан киэҥ ойуурдаах хаспахха тиийдибит. Рота командира стройдатан баран маннык диэн быһаарда:
  • Бу запасной район. Эһигини курсаннары сэрии буоллаҕына сразу уокка укпаппыт. Манна кэлэн формирования барыахтааххыт, онтон биирдэ сэриигэ киириэххит. Бу кэлбит сиргитин көрдүгүт. Билигин сэрии буоллаҕына хамаанда кэтэспэккэ манна сүүрэн кэлиэхтээххит. Ол кэмҥэ манна командирдар тоһуйан аһатан-таҥыннаран, сэптээн-сэбиргэллээн сэриигэ киллэриэхтээхтэр. Сэрии саҕаламмыта биир чаас буолуута сэриилэһэргэ бэлэм буолуохтааххыт. Онуоха дылы регулярнай чаастар сэриилэһиэхтэрэ. Итинэн куттуур порциялара бүтэн туос бөтөрөҥүнэн төнүннүбүт. Төннөн кэлэн баран аһаан кэллибит. Онтон ленкомнатаҕа мунньан сонун көрдүбүт. Кырдьык Кытай Вьетнамҥа сэрииннэн түспүт. Сонун барыта ол айдаана. Урут төгүрүйэ байыаннай чаастар баалларын билбэт этибит. Ол күнтэн саҕалаан тыас-уус бөҕө буола түстэ. Хаһаарыма үрдүнэн субу-субу истребительлэр көтөн ааһаллар. Өссө ааһан иһэн “бас” гыннардахтарына сир-халлаан титирэстиир курдук гынар. Ынараа сопка кэннин диэки снарядтар эстэр тыастара бөҕө буола түстэ. Хайдах эрэ олох сэрии бу саҕаланаары гыммытын курдук. Основной үөрэхпит син сыҕарыҥныыр. СПГ-бытын олох харах симэн баран хомуйар-дьаһайар буоллубут. Оптикатын иҥин олох ааһан иһэн настройкалыыр буоллубут. Мас макеттары сүүрдэн иһэн ытан көрө үөрэнэбит. Биир күн показательнай стрельба оҥордулар. Били баҕайыбыт тыаһа диэн сүр эбит. Соһуйан киһи тиэрэ кэлэн түһүөх курдук. Тэйиччи турбуппут да салгына да түҥнэри охсуох курдук. Быһата суостаах кыыл эбит. Барьертан тахсан сүүрэн эрэр макеты тэһэ ытан кэбистилэр. Астыныы бөҕө. Саас буолан сопкаҕа ньургуһуннар иҥин бөҕө үүннүлэр. Оннук кэмҥэ киһи дойдутун ахтара күүһүрэр эбит этэ. Син быыс булан хонууга тиэрэ сытан дойдубутутун ахтабыт. Көтөр үөрдэрэ көтөн ааһыталыыр буоллулар. Кыһын сорокалары кытта фазаннар эрэ бааллара. Биирдэ эмит косуля үөрэ ааспыт буолара. Арба, суруктар тустарынан умнубуппун. Саллаатка саамай күндү, дойдутун кытта сибээстиир сурук буоллаҕа дии. Мин суруйарым да - биирдэ эмит тутарым. Үөрэхтээҕэ эбитэ буоллар эбэм суруйуо эбит. Ону, ааспыт үйэ, үөрэҕэ суох эмээхсинэ, хантан суруйуой. Эдэрдэр биирдэ эмит суруйдахтарына ытык иэстэрэ бүппүт курдук сананаллар быһыылааҕа. Саатар били Павлик суруйбат. Арааста хотон түннүгүттэн армия олбуора көстүбэт быһыылааҕа. Ол да буоллар, ол саас, ол олбуор ханна баарын көрдөрбүт этилэр. Эгэ Мила суруйуо дуо! Хаста да суруйтум да – эппиэт туппатаҕым. Хата Бииктэрдээх баар буоланнар дойду сонунун истэр этим. Дьонноох уолаттар буолан син сурук туталлара. Арба, били Дьокуускайга буолбут охсуһууну кинилэртэн истибитим. Уонна, армияҕа мин иннибинэ барбыт, табаарыһым Дьууруй суруйан иһэн сүппүтэ. Хайа “дед” киһи сүрэҕэлдьээн да эрдэҕэ. Муус устар ортотуттан экзамен айдаана саҕаланна. Күн аайы бэлэмнэнии бөҕө. Устааптары почти нойусуус билбитим быһыылааҕа. Онтум, кэлин войскаҕа, проверка туттарарга лаппа көмөлөһөрө. Куруук хайҕабыл ыларым. Биирдэ да проверкаҕа проваллаабытым суоҕа. Уопсайынан күүстээх үөрэҕи ааспыт этибит. Войскаҕа учебканы ааспыт сержаннар олох чыҥха атын буолааччылар. Инньэ гынан силикпит ситэн экзаменҥа бэлэм буолбуппут. Ый бүтэһигэр экзаменнар саҕаламмыттара. Армияттан экзамен тутаары тойон-хотун бөҕө кэлбит этэ. Бастаан “огневой” туттарбыппыт. Долгуйдарбын да сыыһа ыппатаҕым. Үөрэппиттэрэ таах хаалбатах этэ. Алта сүүстэн саҕалаан – километрга дылы, хантан баҕарар, макет туран кэлэн сүүрбэ секунда сүүрэн баран сытара. Онно успейдаан кыҥаан ытан табыахтааҕыҥ. Миэхэ тоҕус сүүстэн тахсан сүүрбүтэ. Син успейдаан ытан таппытым. Ыппакка да хаалааччылар бааллара. Олорго хаттаан ыттараллара. Инньэ гынан син ыталлара. Уопсайа аҕыс экзамен туттарбыппыт. Мин син дьон ортотугар баар этим. Сарсыныгар киэһэ плацка бирикээс аахпыттара. Биһиги взводтан Овчинников, Мотырев уонна Эсаул диэн уолаттарга сержант сыбаанньатын, уоннааҕыларга младшай сержант сыбаанньатын иҥэрбиттэрэ. Эсауллаах Овчинников, Мотырев онно сержанныы хаалтара. Армияттан кэлэн иһэн эшалонҥа Овчинникобы көрсөн, кэпсэтэн турабын. Уонна кэлин ол чааска сулууспалаабыт биир уол кэпсээн турар.
  • Биһигини сахалары олох атаҕастаабат этилэр. Сахалары кытта бииргэ курсааннаабыппыт диэн астына кэпсииллэрэ. Кыахтаах сержаннар этилэр – диэбитэ. Онон ол киэһэ рота барыта лычкалана түспүтэ. Сарсыныгар саҥа пополнения кэлэн барта. Онон биһигини учебнай корпуска үүрбүттэрэ.Мантыкабыт “Деребянный дембель” диэн ааттанар эбит. Үөрэхпит бүтэн биһиэхэ эрэ наадыйбат буолтара. Дьэ онно сытан распределенияны кэтэһэбит. Киэһэ аайы – плацка распределения буолар. Онно түбэспиттэр ол кэннэ үргүччү чаастарыгар бараллар. Дьэ онно Бииктэрдээхпин кытта биир муннугу бас билэн сыттыбыт. Күнү быһа тугу да гыммаппыт. Аһаан кэлэ-кэлэ сытабыт. Сороҕор кулуупка баран киинэ көрөбүт. Ол курдук маай бырааһынньыга ааста. Күн аайы сытан тахсабыт. Саҥа призывтар эбиллэ тураллар. Ол гынан баран барыта соҕуруулар. Үксэ молдованнар иҥин. Эсауллаах сотору-сотору аттыбытынан хочугуратан ааһаллар. Алта ый ынараа өттүгэр биһиги да итинник буоллахпыт. Түҥ-таҥ үктэнии, тиэрэ-маары дайбаныы. Биһигини эмиэ туох сержаннара “саах тэбэ” сылдьалларый дииллэр быһыылаах. Бырааһынньык кэмигэр распределения буолбатаҕа. Ол да буоллар лаппа аччаабыт этибит. Уолаттарым эмиэ бааллар. Радик бастакы потокка барта. Дьууруйум баар. Үһүс маайга киэһэ эмиэ распределения буолла. Бииктэрдээх Колям ол онно хабыллан бардылар. Саллаат туох хомунара кэлиэй – баайын барытын сүгэ сылдьар. Хаһаарыматтан үүрүллэрбитигэр сээкэйбитин сүктэрэн ыыппыттара. Мөһөөччүкпүтүгэр парадкабыт, шинельбит, үтүлүкпүт, бэрчээккэбит, кыһыҥҥы бэргэһэбит, фуражкабыт, бачыыҥкабыт, сотторбут, куруускалаах луоскубут, саппыт, иннэбит уонна суруктарбыт баара. Онон плацтан үргүччү батыһыннаран бара туртара. Успейдаан хаһыытаһан эрэ хаалбыппыт. – Дойдугар суруйаар, дьоммут ыытыахтара – далбаатыырын быыһыгар Бииктэр хаһыытыыр. Ыраахха дылы сайыһа көрөн хаалбытым. Ыра санаабытыгар бииргэ түбэһиэх курдукпут. Дьон аччаан син шанс баар курдуга... Эмиэ аччаатыбыт. Учебнай корпуска толугураһыы буолла. Баара-суоҕа сүүсчэ эрэ буолан хааллыбыт. Дьууруйум эмиэ хапсыбата. Биир ротаҕа сылдьыбыттар олох аччаатыбыт. Нууччалардыын уонча эрэ киһи хааллыбыт. Сарсыныгар эмиэ распределенияҕа бардыбыт. Бастакы икки команда отуччалыы киһини хомунна. Строй олох чарааһаата. Дьууруйум аттыбар баар. Үһүс команданы ааҕан бардылар. Уонча киһи хаалла да мин Дьууруйбунаан умнуллубут курдукпут. Онтон өссө аҕыйах киһиннэн команда туолла диэтилэр. Эргиллэн көрбүтүм Дьууруйбунаан алтыа буолан туран хаалбыппыт. Аны бары биһиги роталар. Үс саха уонна үс нуучча. Хайдах эрэ:”Эмиэ хаалар буоллубут быһыылаах” – диэн санаа өйбөр охсуллан ааста. Онтон штаб начальнига, кумаахытын бэрийээт, ачыкытын үрдүнэн биһиги диэки көрөн кэбистэ.
  • Формируеться команда №….. – диэбитигэр дьэ “һуу” гынныбыт. – младшие сержанты Толстихин, Трофимов, Потапов, Васильев, Степанов, ... Онтон биһигини бүтэһик команданы ылбыт капитанҥа туттаран кэбистилэр. Ол киһи биһигини чааспытыгар бииргэ илдьэр буолла. Биһиги чааспыт атын үһү. Кини ол отут саллаатын УР-га илдьэр эбит. Биһиэнэ туох чааһын эппэт, кистээбитэ буолар. Дьэ батыһыннаран хочугуратан эмиэ били ыскылаакка илтэ. Онон чааспыт мантан саҕаламмыта – манан бүтэр буолла. Ыскылаакка хас биирдиибитигэр сухой паек биэрдилэр. Үрүҥнээх хара килиэп, бааҥкалаах рисовай, гречневай, овсяной хааһылар, балык кэнсиэрбэлэрэ. Онтукабытын барытын мөһөөччүкпүтүгэр сүгэн баран станция диэки тэпсэҥнии турдубут. Сыл аҥара сүүрбүт-көппүт чааспыт бэйэтин олоҕунан тигинии хаалбыта. Биир утуктаабыт РУБМ саллаата тахсан боруотатын аһан биэрбитэ. Кэннибититтэн сабар тыаһа халыгырыы хаалбыта. Биһиги саҥа олоҕу көрсө хараҥа суолунан ыраах көстөр станция диэки хаама турбуппут. Ол киэһэ пуойаска олорон төттөрү хоту айаннаабыппыт. Сассыарданнан Уссирийскайга кэлэн сүөккэммиппит. Эмиэ күнү быһа вокзалга пуойаспытын кэтэһэн тэпсэҥнэстибит. Сыл аҥарын ынараа өттүгэр манан кэлэн ааспыппыт. Оччолорго боростуой таҥастаах призывниктар этибит. Ону куруук өйдүүбүн. Таһырдьа перронҥа табахтыы турдубут. Эмиэ соҕурууттан эшалон кэлэн тохтоото. Түннүгүнэн дембельлэр бөҕө быгыахтаһан кэллилэр.
  • Дембель 80 – вешайтесь! Уу!!! – диэн хаһыытыыллар. Аны, хотуттан эмиэ пуойас кэлэн тохтоото. Пуойас иһэ барыта маҥан нейлон ырбаахылаах бар бытык дьон. Кэпсэтэн билбиппит арменияттан армиялаан иһэллэр эбит. Армяннар оҕолорун саҥа таҥас кэтэрдэн ыыталлар эбит. Ырдаччы тоҥмут этилэр. Хата биһиги уолаттарбыт тэлигириэйкэлэрин атыылаан хаалбыттара. Кыһынтан иһэр дьон тэлигириэйкэтэ да суох таҥаспыт халыҥ этэ.

Киэһэлик эмиэ пуойаска олорон хоту түһэ турдубут. Арба, биир команда онно – Уссирийскайга хаалбыта. Уолаттар пуойастан түһэн, стройдаан куорат диэки хаама туртара. Сорохторун кэлин эмиэ пуойаска көрсөн турабын. Түүн буолуута Спаск Дальний кэлэн тохтоотубут. Эмиэ биир команданы түһэрдилэр. Биир саха уолуттан уратылара нууччалар. Ол уолбут перронҥа туран хаһыытыыр:

  • Уолаттаар! Сахаттан соҕотоҕун түстүм! Мин саха аатын түһэн биэриэм суоҕа! Эһиги эмиэ түһээйэххит! Дьокуускайга көрсүөхпүт! Учебкаҕа ханнык ротаҕа дуу, батареяҕа дуу сулууспалаабытын билбэтим. Көрөр эрэ этим. Хайа оройуон уола эбитэ буолла. Улахан, доруобай, сержант сыбаанньалаах уол сайыһа көрөн хаалбыта. Фуражкатын кэтэҕэр иилинэн баран, мөһөөччүгүн сүкпүтүнэн хаһыытыы турара билигин да бу – баардык көстөр. Түүн ортото Дальнереченск диэн куоракка кэллибит. Биһигини дьэ түһэрдилэр. Биһигини аҕалбыт капитан бэйэтин дьонун стройдатан баран хаамтара турда.
  • Онтон биһиги? – диэн нэһииччэ успейдаан ыйыттыбыт.
  • Кэлэн ылыахтара – эппиэт кылгас буолан биэрдэ. Онон алтыа буолан перронҥа туран хааллыбыт. Ханна да барарбытын билбэккэ табаахтыы турдубут. Арай вокзалтан мотуруостар патрульлара тахсан кэллилэр.
  • Эй сапоги куда чапаем? – киэптэҥнэһии саҕаланна.
  • Не ваще собачье дело! – Толстихин хаалсыбат. Кинилэр үстэр – биһиги алтыабыт. “Син сырбатыһыллыа” - дии санаатым. Хата, кэннилэриттэн мичман тахсан кэлэн охсуһуу саҕаламмакка эрэ тохтоото. Дөкүмүөммүтүн көрөн баран сборнай пуун ханна баарын ыйан биэрдэ. Онтубут вокзалтан олох чугас эбит. Сборнайга дылы аҕыйахтык атыллаан тиийдибит. Эһиги муора сыта да суох сиригэр хантан моряктар кэллилэр диэн ыйытыаххыт. Ол боппуруос оччолорго биһигини эмиэ интэриэһиргэппитэ. Кэлин билбиппит онно, ол куоракка пограничнай этэрээт баар эбит. Онтон ол мотуруостар Уссури устун устар пограничник мотуруостар эбит. Олбуор иһигэр улахан балааккалар тардыллыбыттар. Дьурууһунай ону ыйан баран:
  • Ол балааккаларга киирэн миэстэ булан сытынан кэбиһиҥ. Сассыарда хамандьыырдар кэллэхтэринэ миэстэҕитин булларыахтара – диэтэ уонна дөкүмүөммүтүн хомуйан ылла. Биир балааккаҕа киирбиппит иҥин араас таҥастаах омуктар бөҕө кырыы-кырыытынан сыталлар эбит. Утары биир эриэн халааттаах, тюбэтиэйкэлээх уол туран кэллэ.
  • Хольодно, хольодно – дии-дии таптанар уонна бэйэтин тылынан тугу эрэ ботугуруур. Урут маннык таҥастаах дьону “басмачтардаах” эрэ киинэҕэ көрөрбүт. Дьиҥэр нууччатттан атын омугу көрө да илигим. Арай молдованнары көртүм да олор син-биир нуучча курдуктар этэ. Атын балааккаҕа кирбиппит синиэл бүрүнүүлээхтэр манна бааллар эбит. Биир муннукка синиэлбитин тэлгэтэн, бүрүнэн сытынан кэбистибит. Төһө да маай ыйа буоллар түүн тымныы баҕайы. Сассыарда туран сухпайбыт тобоҕунан үссэммитэ буоллубут. Аттыбытыгар сытааччылар эмиэ учебкатан иһэллэр эбит. Кинилэр үксүлэрэ БТР водитель-механиктара эбит. Амурскай уобаластан иһэллэр эбит. Таһырдьа тахсыбыппыт били халааттаахтарбыт тиэргэни биир гына ылан кэбиспиттэр. Дьэ кус-хаас тойугун түһэрбиттэр ээ. Биримээнэ басмачтаах киинэҕэ киирэн хаалбыт курдук. Олор быыстарыттан аны ушанкалаах уол тахсан кэллэ.
  • Табаарыс сержант эн ненец буолбатаххын дуо? – диэн соһутта. Арба, сержант буоллум этэ дуу! Ким да табаарыс сержанныы илик этэ ээ.
  • Ненец курдукпун дуо?- күлэ-күлэ ыйытабын.
  • Оннук табаарыс сержант, мин биир табаарыспар майгынныыгын – диэтэ.
  • Суох, мин сахабын. Ол турдахпытына эппиһиэрдэр тахсан стройдаттылар. Приывниктар туспа, формалаахтар туспа взводунан турдубут. Эмиэ формирование саҕаланна.
  • Формируеться команда на в/ч ..... – диэн ааҕан бардылар. Икки хас хамаанда хомуллан бардылар. Сразу массыынаҕа тиэйэн илдьэ баран иһэллэр. Онно призывниктар да, учебкаттан иһээччилэр да бииргэ бараллар. Олбуор иһэ син кэҥииргэ дылы буолла. Биһиги алтыан онно хабыллыбатыбыт. Үһүс дуу, төрдүс дуу хамаандаҕа үс уолбутун ылан бардылар. Өлүөхүмэ сахата Трофимов, Өлүөхүмэ нууччата Васильев уонна Хабаровскай уола буолан хабылыннылар. Мин Дьууруйбунаан уонна Толстихин диэн Магадан уолунаан туран хааллыбыт. Кэмниэ кэлин биһиги уочараппыт кэллэ. Үһүөн бииргэ барар буоллубут. Икки ГАЗ-66 массыынаҕа били халааттаахтарбытын, мэхээнньиктэрбитин кытта ыга симсэн куораттан тахсан тэптэрэ турдубут. Өр-өтөр гыммакка улахан да улахан гарнизонҥа тиийэн кэллибит. Сүрэҕэлдьээбит сырайдаах хара бараан саллаат КПП (Контрольно пропускной пункт) аанын арыйан гарнизонҥа аһарда. Кэлин бу КПП-га элбэхтик сылдьыбытым. Үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэр бааллара. Гарнизону икки аҥыы хайытар асфальт суол устун дыыгынатан куугуната турдубут. Суол аҥар өттүгэр барыта сабыылаах сулустаах боруоталар көстөллөр. Онтон аҥар өттүгэр этээстээх дьиэлэр, маҕаһыыннар онтон стадион көстөн аастылар. Арааһа эппиһиэрдэр городоктара быһыылаах. Син барбахтаабыт кэннэ суол хаҥас өттүгэр, иһирдьэ турар икки этээстээх дьиэҕэ кэлэн тохтоотубут. Онтукабыт штаб эбит. Штаб штаб курдук – эппиһиэр бөҕө суккуллан олорор. Эмиэ дьэ кэтэһии-манаһыы саҕаланна. Чаас курдук буолбуппут кэннэ “халааттаахтарбытын” батыһыннаран илдьэ бардылар. Кэтэһэн кэлтэгэй буолбуппут кэннэ биир сибилигин тэстиэх курдук кыһыл сырайдаах хапытаан тахсан испииһэк аахта. Уопсайа уонча киһини ааттаата. Мин ол испииһэккэ Толстихиммын кытта түбэстим. Дьууруйум хаалан хаалла. Сайыспыт харахтарынан кылап-халап көрүтэлии хаалла. Биһигини, стройдатан, илдьэ били суолбут устун хаамтара турда. Аны суолбут уҥа өттө барыта хаһаарымалар буолан барда. Кэлин бу суолунан “Марш бросок” сүүрэр этибит. Гарнизон аҥарын эргийэн кэллэххэ биэс километр буолааччы. Кэмниэ кэлин бүтэһик турар хаһаарымаҕа тиийдибит. Хаһаарыма аанын үрдүгэр эмиэ 1937 сыл суруллан турара. Итини барытын Блюхер туттарбыта диэн кэпсииллэрэ. Хаһаарыма иннигэр курилкаҕа Гитлер курдук муннун анныгар бытыктаах майор табаахтыы олорор. Үөһээ кирилиэс биир өттүгэр – мэлтэйбит сырайдаах, сахаҕа майгыннаах, орто уҥуохтаах, “Дежурный по батальону” диэн повязкалаах старшай сержант өйөнөн турар. Онтон кирилиэс биир өттүгэр эмиэ сахалыы сырайдаах, кыра, хатыҥыр, “Дневальный” диэн повязкалаах саллаат турар. Майор туран дорооболоһон бэйэтин билиһиннэрдэ.
  • Мин ... №-ээх мотострелковай полка бастакы батальонун командира майор Парфенов диэммин. Мантан инньэ эһиги мин батальоммар сулууспалыаххыт – чаас аҥардаах төлөннөөх тыллары эттэ. Онтон били биһигини аҕалбыт хапытаан тарбаҕынан үөһэ ыйа-ыйа дакылааттаата. Онтубут Петров диэн батальон замполита эбит. Элбэх-элбэҕи эппититтэн биири дословно суруйуум.
  • В свое время генералисимусс Суворов сказал – диэн баран эргийэ көрөн кэбистэ. – Если хоть один солдат потеряет свою пуговицу – то армия останеться без пуговиц! Ол туран лейтенант Приходьконы санаан кэллим. Дьэ замполиттар майгыннаһар да эбиттэр. Эмиэ биир артыыс эбит. Иккиэннэрин бииргэ туруорар киһи көр буолуо эбит. “Үөрүүлээх” мунньах бүтэн эмиэ распределения саҕаланна. Толстихин биһиккини уонна икки механик уолаттары ыҥыран таһаардылар. Онтон били старшай сержант диэки көрөн баран:
  • Сабралиев! Забирай этих к себе! – диэн буолла. Дьэ били саха диэбитим казах буолан биэрдэ. Хаһаарымаҕа киирэн түгэх диэки аастыбыт. Киирэргин кытта утары дневальнай турар. Хпҥас өттүгэр хостор субуруһаллар: “Командир батальона”, “Начальник штаба”, “Бытовка”, “1 рота”, “Взвод связи”. Онтон уҥа: “Оружейная комната”, “2 рота”, “Рота связи”. Эриһиэккэлээх аан нөҥүө оружейка ортотугар били биһиги СПГ-ларбыт дьааһыктара кыстанан турар. Сыалай үс устуука. Уонна стрелковай сэптэр ууруллар ыскааптара көстөр. Сотору кэминэн бу оружейкаҕа туох ханна баарын, хас баарын нойусуус билбитим. Онтон проход икки өттүнэн икки яруһунан стройдаабыт расположениялар саҕаланнылар. Бастакы расположенияҕа: хаҥас – “1рота”, уҥа – “Рота связи” диэн суруктаахтар. Утары аан үрдүгэр эргэ “Рассвет” телевизор көстөр. Иккис расположенияҕа: хаҥас – “2 рота”, уҥа – “3 рота” диэн баар. Расположения ортотугар турник турар. Били мэхээнньиктэрбит ааһан иһэн тардынан аастылар. Үһүс расположенияҕа киирбиппит: хаҥас – “Взвод связи” уонна “Хоз. взвод” диэн табличкалар көстөллөр. Уҥа өттүгэр – “1ПТВ” уонна “Батарея 120” диэннэр бааллар.
  • Это наше расположение – диэн Сабралиев ПТВ ороннорун ыйан көрдөрдө. Онон төрдүөн “Бастакы Противатанковай взводка” сулууспалыыр буоллубут. Элбэх распределенияны ааһан дьэ миэстэбитин буллубут. Атыттар онно манна көспүт иҥин буоллахтарына биһиги төрдүөн мантан дьиэлээбиппит. Онон ол расположения балтараа сыл биһиэхэ дьиэбит буолбута. Онтон эмиэ көрүдүөр саҕаланна. Хаҥас эмиэ оружейка баар эбит, оптон “3 рота”, “1 ПТВ” диэн аан. Салгыы “Умывальник” уонна “Хоз.взвод” диэн ааннар көстөллөр. Уҥа “Ленкомната”, “Батарея 120”, Курилка бааллар. Биһиги ПТВ диэҥҥэ киирдибит. Киирбиппит кыара5ас хос эбит. Баара суоҕа 2х5 курдук эбит. Ол хос (каптерка) быстар аҥара ыскаап эбит. Онно уонтан тахса шинель, парадка, бушлат ыйанан тураллар. Үөһээ полкаҕа соччо фуражка, кыһыҥҥы бэргэһэ, каска, мөһөөччүктэр көстөллөр. Аллараа хаатынкалар стройдаабыттар. Быһата ПТВ саллааттарын сээкэйдэрэ. Кэннибиттэн ким эрэ тардыалаабытыгар эргиллибитим – били кирилиэскэ турар уол эбит.
  • Доор, сахаҕын дуо?
  • Сахабын.
  • Дорообо! Ол иһин сразу саха диэн сэрэйбитим ээ.
  • Дорообо!
  • Мин аатым Леха диэн. Уус Алдаммын. Эн кимҥиний? Ааппын уонна хантан сылдьарбын эттим.
  • Васильев выйди вон! Потом поговоришь! – Сабралиев дьаһалымсыйар.
  • Чэ, ноо таҕыстаххына кэпсэтиэхпит. Кэпсэтэр бириэмэ көстүөҕэ, бииргэ сулууспалыыр буоллубут – диэтэ да тахсан барда. Дьэ мөһөөччүктэрбитин сээкэйбитин хостоон дьаһайдыбыт, параднай формабытын ыйаталаатыбыт.
  • Мин старшай сержант Сабралиев диэммин – эһиги ким диэҥҥитий?
  • Мин младшай сержант Толстихин Федор Степанович диэммин. СПГ-испын.
  • Мин рядовой Федько Алексей Александрович диэммин.Водитель механикпын.
  • Мин рядовой Антониу Виктор Алексеевич диэммин.Водитель механикпын. Онтон мин бэйэбин билиһиннэрдим.
  • Эһиги бүгүҥҥэттэн бастакы батальон бастакы ПТВ-тын байыастара буолаҕыт. Испииһэк быһыытынан уон алта буолуохпут. Пока сорохтор камандировкаҕа сылдьаллар, сорохтохтор дембельга бардылар. Аҕыйах хонугунан туолуохпут. Билигин пока үһүөбүт, эһигинниин сэттиэ буоллубут. Бүгүн сынньаныҥ, саҥа сири билсиҥ – сассынҥаттан хомууткутун кэтэн барыаххыт. Ороҥҥутун Васильев көрдөрүө. Билигин ленкомнатаҕа тахсыҥ – замполит кэпсэтиэм диэбитэ. Эбиэт да чугаһаата. Мин остолобуойга бардым. Батальон стройугар холбоһон бараарыҥ. Быһата Васильев көрдөрүө.

Каптеркаттан тахсан ленкомнатаҕа киирдибит. Обычнай хас чаас аайы баар ойуу-бичик. Уонна кыра Ленин бюһа. Истиэнэҕэ ыйанан турар: “Служа по уставу заслужили честь и славу!” диэн стендэни көрө туран соһуйан “дьик” гынным. Биир хаартыскаттан уун-утары били Дьууруйум убайа көрөн олорор. Хараҕым онно тохтообутун көрөн замполит:

  • Ты знаешь его?
  • Земляк мой Володя.
  • Настояший солдат! Нынче демоблизовался. Наверно скоро твою фотографию повесим.
  • Не знаю товарищ капитан. Дьэ онон бу Приморьеҕа кэлэн көрүөм диэбэтэх киһибин көрбүтүм. Аҕыйах хонугунан баттаспатах этим. Кини оскуолаҕа икки сыл мин иннибинэ үөрэммитэ. Абыраммыт баҕайы диэтэҕиҥ! Замполит чааспыт туһунан кэпсээн истэҕинэ көлүдүөргэ:
  • Батальон выходи, строиться на обед! – диэн хаһыытаатылар. Икки күн итиилээбэтэх киһиэхэ – үчүгэй да хамаанда! Таһырдьа тахсыбытпыт түөрдуонча киһи стройдаан түрар. Биир старшина стройдатан остолобуой диэки сүөдэҥнэстибит. Кыратык туораан кэлбит чааспыт туһунан кэпсиим. Чааспыт мотострелковай полк эбит. Алта уонус сыллар ортолоругар Украинаҕа төрүттэммит. Ол сыл манна Лазо станцияҕа көһөн кэлбит. Даманскай арыыга буолбут 1969 сыллаа5ы конфликка кыттыбыт эбит. Младшай сержант Орехов герой буолбут. Онно Дальнереченскайга аллея героев диэн баара. Ону кэлин командировка5а сылдьан көрөр этибит. Олох куорат ортотугар баар. Мраморнай плиталар бөҕө сыталлар. Өйбөр старший лейтенант Стрельников диэнтэн ураты хаалбатах. Биһиги комбатпытын лейтенант сылдьан онно сэриилэспит курдук кэпсииллэрэ да – билбэтим. Быһата кытаанах киһи этэ. Дэлэҕэ биһиги батальоммутун “дисбат” диэхтэрэ дуо. Дьиҥэр сүүһүнэн омугу, түөрт сүүсчэ саллааты оннук эрэ тутан сылдьар буоллаҕыҥ дии. Бары да “Мин эрэ” диэбит эрэттэр буоллахпыт дии. Полкабыт гарнизон саамай улахан чааһа этэ. Уопсайа сэттэ чаас баара. Бырааһынньыктарга иҥин гарнизон барыта бииргэ плацка стройдаатаҕына – элбэх буолааччы. Биримээнэ километрынан строй! Турар сирэ степь аҥардаах үрдүк сир. Эмиэ Кытай кыраныыссатын чугаһа. Ыраас күн, арҕаа диэки кытайдар фанзаларын сарайа көстөөччү. Аны механиктарбын билиһиннэриэм. Иккиэн Молдавияттан төрүттээхтэр. Федькота орто уҥуохтаах, доруобай көрүҥнээх нуучча. Антониута уһун уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх молдован. Федько уруккута суоппар эбит, Антониу музыкаан. Флейтаҕа оонньуубун диирэ. Онтон Федя Толстихин эмиэ бэйэм курдук уҥуохтаах, комплекциялаах, Магадан уола. Уонна учебкаттан бииргэ сылдьабыт. Арба, Дьууруйум иккис батальонҥа түбэспит этэ. Бу манна кэлэн дьэ көрдүм – Сэбиэскэй Сойуус төһө киэҥин, биллим – элбэх омук олорорун. Биримээнэ сүүһүнэн омук. Хааһы курдук. Саха диэбитиҥ – омук, омук диэбитиҥ – саха буолар. Ол саҕана нууччаттан- сахаттан уратыны көрбөтөх киһиэхэ дьикти этэ. Холобур онно сылдьыбатаҕым буоллар табутурианецтар иҥин диэн омук баарын билиэ да суохпун. Сулууспам бүтэһигэр урут хаһан да көрбөтөх киһибин ханнык омугун сразу таайар буолбутум. Бэл үгүс омуктар үөхсэр тылларын билэр этим. Өйдөөбөккө үөхсэн киирэн биэрэллэрэ. Оһуобанна орто азия омуктара стройга туран атын омук эрэ диэн бэйэлэрин тылларынан үөхсэллэрэ. Саҕаларыттан сахсыйтыыр буолтум кэннэ кэннибиттэн да үөхсүбэт буолтара. Ол туһунан кэлин кэпсиэм. Арба, хойут үөрэнэ сылдьан биир эмиэ оннукка түбэһэн турабын. Куорат устун уолаттардыын хааман иһэбит. Утары биир нуучча кыыһа иһэр. Биһиэхэ кэлэн тохтоото.
  • Скажите пожалуйста, где улица Карла Либкнехта? Биһиги ыйан биэрдибит. Кыыспыт биир уолу барсан көрдөр диэн сордоото. Ону ыксаан иһэбит диэн куотуннубут.
  • Тогда ....... ........вам! – диэтэ молдованныы.
  • Тебе также! – диэтим. Кыыспыт төттөрү сүүрэн кэллэ
  • Че вы сказали?
  • То-что ты нам пожелала – диэтим.
  • Откуда ты знаешь?
  • Я же служил с молдованами – диэтим да бара турдум. Кыыспыт өйдөөбөтөхтүү көрөн хаалта.
  • Эн молдованныы хантан билэҕин? Уонна ити туох тылай диэн сордоотулар.
  • Ээ армияҕа молдованнары кытта сулууспалаабытым уонна ити үөхсүү тыл. Босхо үөҕээри гыммыта сатаммата – диэтим. Дьэ итинник били Сабралиев эппитинии сарсынытытттан хомууппутун кэтэн барбыппыт. Мэхээнньиктэрбит пааркаҕа БТР-дарын хасыһаллара. Атыттар күн аайы куоракка ол бу үлэҕэ барарбыт. Эбэтэр били нэрээттэринэн барарбыт. Уопсайынан быыһык кэм этэ. Үөһэ эппитим курдук сорох дьиэлээбит, сорох командировкаҕа, пополнения кэлэ илигэ. Куоракка вагон сүөккээһинигэр, кирпииччэ собуотугар – кирпииччэ таскайыгар, Докка мас уһаарааһыныгар, эрбээһинигэр үлэлиирбит. Быһата хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ. Нэрээттэр диэн манна кэлбит кэннэ – батальон дьуһуурустубата, КПП дьуһуурустубата, штаб дьуһуурустубата. Эмиэ быыһык кэм буолан биһиги күн өрүү-өрүү нэрээккэ турарбыт. Онтон кэлбит пополнение атын хаһаарымаҕа “Курс молодого бойца” ааһа сылдьаллара. Били халааттаахтарбыт онно көстөллөрө. Кэлбитим төрдүс күнүгэр батальонҥа дьурууһунайынан турар буоллум. Сабралиев батыһыннара сылдьан көрдөрөн биэрдэ. Ол да буоллар долгуйуу бөҕө. Дневальнайдарынан Федько уонна Леха ананнылар. Кыратык туораан Лехам туһунан суруйуум. Кини эмиэ мин призыбым этэ. Бастакы күнтэн тапсыбыппыт. Кэлин ону-маны кэпсииллэрэ да миэхэ куруук үчүгэй этэ. Бастаан сатаан өйдөөбөт этим – тоҕо бачча кыра киһини, молодойу, бүтүн батальон, бэл эппиһиэрдэрдиин убаастабыллаахтык Леха диэн ыҥыралларый. Сорохтор икки сылы быһа Султанов, Раймханов буола сылдьааччылар уонна ол курдук аата суох барааччылар. Иҥин араас омук оройдоро Лехаҕа утары турбат этилэр. Хайдах эрэ өҥнөөх курдук этэ. Кэлин биирдэ биир омук уола кэпсээбитэ.
  • Твой земляк Леха – крутой мужик – диэбитэ. Дьыала маннык эбит. Саҥа кэлэ сырыттаҕына атаҕастаабыттар. Саатар онно дневальнайдаан турбут. Леха ыстыык быһаҕын хостоон таһааран:
  • Оннооҕор эһэҕэ быһаҕынан киирээччибин, аҕыйахтан-аҕыйах охтуо – элбэхтэн-элбэх охтуо – диэбит. Ол-да буоллар кырбаммыт. Түүн ол кырбаабыт киһитин утуйа сыттаҕына тиийэн хабырҕатыгар ыстыыгынан тирээбит. Киһитэ тэллэҕэр ииктиэр дылы куттаммыт. Ол кэннэ, сарсыныгар, Баһылаайаптан – Леха диэн ыҥырыллар буолбут. Биирдэ дьээбэлээн ыйыппыппар:
  • Хантан! Эһэни көрбөтөҕүм, көрсүбэтэтэх да киһи! Боруоста үрүҥ тыын өллөйө диэн баар – диэн баран туора көрөн кээспитэ. Уһуннук бииргэ сулууспалаабатахпыт. Кэлтим ый курдук буолтун кэннэ атын батальонҥа көһөрбүттэрэ. Ол да буоллар син көрсөр этибит. Чэ, туох эмит кэһии тутуурдаах тиийэн кэлээччи. Хаста да “быһахтаммыт”, “табуретканнан быраҕаттаммыт” диэн кэпсииллэрэ да мин итэҕэйбэппин. Дембельгэ бииргэ айаннаан кэлбиппит. Онтон, тоҕуонус сыллар саҥаларыгар Маҕан пордугар көрсөн турабыт. Биирдэ сайын командировкаттан дойдулаары Маҕан пордугар киирдим. Биһиги сөмүлүөппүт күнүс уон иккигэ көтөөччү. Арыый эрдэ киирбит этим. Зал ортотугар ыскамыайкаларга олоробун. Арай, биир кыра уҥуохтаах киһи хас да улаатан эрэр оҕону бэрийэр. Уонна сис туттан баран төттөрү-таары хаамыталыыр. Ааһан иһэн мин диэки эргийэн көрөн иһэр. Хаһыс да сырыытыгар эмискэ:
  • Леха! – диэтим. Киһим сонно эргичис гынан бу баар буола түстэ. Куустуһуу бөҕө буоллубут.
  • Мин эйигин кэлээккин кытта билбитим. Ол гынан баҕар атын киһи буолуо диэн чугаһаабакка сырыттым. Көстөөрү ити төттөрү-таары хаамыталыыбын. Уонна вниманияҕын тардаары оҕолору мөхпүтэ иҥин буолабын. Бу сырыыга билбэтэххинэ бэйэм кэлэн ыйыталаһыам дии сылдьыбытым – диэтэ. Дьэ үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Кэпсэтии-ипсэтии бөҕө! Арба, ол олорон көстүүмүн сиэбиттэн хампыат хостоон таһааран миэхэ биэрэ-биэрэ:
  • Мэ ноо – хампыатта сиэ, урут эйиэхэ кэһии гынан сиэппэр уктан илдьэр этим дии – диэтэ. Ол быыһыгар баран регистрацияланан кэллим. Онтон бэйэтин туһунан кэпсээтэ.
  • Армияттан кэлэн баран кыһыны быһа саппыкыннан саллардаан сылдьыбытым. Ол сылдьан бүөрбүн тоҥорон балыыһа киһитэ буолбутум. Хас да сыл балыыһалары кэрийбитим. Ол сылдьан киномеханик үөрэҕин бүтэрбитим. Уонна кэргэммин булан ылтым. Билигин бу оҕолорбор куораты көрдөрөн баран дьиэлээн иһэбит – диэн түмүктээтэ. Онтон сөмүлүөтүм кэлэн ситэри кэпсэппэккэ арахсыбыппыт. Дьэ ити кэннэ көрсө иликпин. Алта аҥар саҕана кыра плацка (комендатура иннигэр) разводка бардыбыт. Түөрдуонча киһилээх караул стройдаан турар. Уонна биһиги батальоннар, батареялар, роталар, КПП-лар (икки КПП баара), КТП (Контрольно-технический пункт), штаб нэрээттэрэ баарбыт. Быһата сүүсчэ киһи стройдаан турара. Караулу – Али Баба и 40 разбойников диэн күлэн ааттааччылар. Оруобуна 40 саллааты кытта эппиһиэр (Начальник караула) турара. Разводка кухнялар эрэ сылдьыбаттар этэ.Гарнизон комендана майор Черный уонна полка дежурнайа иилээн саҕалаан ыыттылар. Бүтэһик инструкция аахтылар уонна нэрээт форматын бэрибиэркэлииллэр.Оруобуна сэттэҕэ развод бүттэ. Сүүрүүннэн хаһаарымаҕа кэллибит. Өссө дневальнайдар туттарсаллара кыра буоллаҕына дежурнайга үлэ баһаам эбит. Оружейкаҕа киирэн туох баарын барытын ааҕан тутаҕын. Бүтэһик ботуруонугар тиийэ ааҕаҕын. Өссө ол ботуруон сериятын кытта көрөҕүн. Кэлбитим бастакы ротаттан дед сержант туттарда. Үрдүнэн-аннынан аахтаран баран күлүүс туттаран кэбистэ. Илии баттаан туттаҕым ол. Аны киэһээҥҥи аһылык ыган кэллэ. Биир дневальнайбынаан остулубуойга сүүрдүбүт. Ол тиийэн аны батальонҥа тэриллибит остуол тутуохтаахпын. Киэһээнҥитэ өссө боростуой соҕус. Килиэбин иҥин аахтыҥ да бүтэр. Сассыардаанҥы сэрэхтээх. Хас биирдии саллаакка арыы тиксиэхтээх. Сымыыт буспут күнүгэр сымыыккын эмиэ энчирэппэккин. Хааһыны, миини, оҕурсууну, хаппыыстаны ким да ылбат. Аны тутан баран маныаххын наада. Бүтэһик саллаат аһаан бүтүөр дылы маныыгын. Сороҕор стрельбаттан иҥин хойутааннар уһуннук мананыллааччы. Остуол тутан баран, дневальнайгын ыытан, батальону ыҥыртараҕын. Аһылык кэннэ “отбойга” дылы син “һуу” гына түһэҕин. Отбой кэннэ даннайдаргын старшиналартан хомуйаат штабка дакылаакка сүүрэҕин. Аны онно уочарат буолар. Ол кэннэ кэлэн сассыардаанҥа дылы сынньанаҕын. Сассыарда подьем кэннэ эмиэ остолобуой. Онтон кэлэн ханнык эмит рота стрельбаҕа барар буоллаҕына сэп-сэбиргэл түҥэтии, онтон кэллэхтэринэ төттөрү тутуу. Онтон эбиэткэ эмиэ остолобуой. Дьэ эбиэт кэннэ туттарыыга бэлэмнэнии. Эмиэ хас биирдии тэрили ааҕыы, суруйуу. Дьэ ити барыта бастакы күнҥэ этэнҥэ ааста. Туттарыыттан уратыта. Тута иккис ротаттан Султанов диэн фазан сержант кэллэ. Мин акаарыбар киирэн аах диэн баран суруксуттуу турдум. Киһим оргууй ааҕа сырытта. Онтон биир ыскаабы ааҕан иһэн ыҥырда.
  • Кэл эрэ манна – диэтэ. Тиийбиппэр киһим бастакы рота ыскаабын аһан турар.
  • Манна снайперскай винтовка оптиката тиийбэт – диэтэ. Оптика сыппыт ячейкатын көртүм кураанах. Маарыын бэйэм ааҕарбар баара эбээт. Ону-маны өҥөҥнөөн көрдүм да суох. Онтон киһим чаһыытын көрөн баран:
  • Чэ мин остолобуойга ас тута бардым. Көрдөө! Булбатаххына рапорт суруйуохпут – диэн баран оружейка аанын хайа быраҕан тахсан барда. Инньэ гынан дневальнайдарбын да уларыппатылар. Хайдах да көрө сатаатым да суох! Суоҕун курдук суох! Ол турдахпына таһырдьаттан Завгородняй диэн биһиги взводка сулууспалыыр дед киирэн кэллэ. Пааркаттан хойутаан кэлбит.
  • Хайа уларыта иликтэр дуо?
  • Суох. Оптика сүппүт. Ол иһин туппатылар. Остолобуойга бартара – диэтим. Киһим хайдах сүппүтүн, ким саҥа нэрээткэ баарын ыйытта.
  • Кэтэс мин остолобуойдаатым. Тутуоҕа – диэн баран тахсан барда. Өр буолбата Султаанабым куһаҕан аҕай сырайдаах, нэрээтин батыһыннарбытынан киирэн кэллэ. Били туттарсар сурунаалбар саҥата суох илии баттаан эрилитэн кэбистэ.
  • Свободны! Отдай ключ! – диэтэ.
  • Онтон оптика?
  • Итиннэ противогаз суумкатыгар укпутум. Аныгыскыгар үөрэх. Мээнэ кими да киллэрэн хастарбат буол – диэн баран сапсыйан кэбиспитэ. Итинник бастакы нэрээппэр үөрэтэн тураллар. Онтон ыла кими да оружейкаҕа күүлэйдэппэт буолтум. Бэл Дьууруй саллар этэ. Онно Завгородняй суоҕа буоллар төһөөҥҥө дылы сордуо биллибэт. Хата ужинҥа успейдаабыппыт. Дьэ “дедовщиналара” диэннэрэ итинтэн саҕаламмыта. Учебкаҕа бары биир призыв буолан оннук суоҕа. Онтон сержаннар бааллара да – ол баар буолуохтаах инстанция буоллаҕа дии. Дьэ бу дойдуга эбит “дедовщиналара”. Сыл аҥарыгар дылы – зеленай, сылга дылы – молодой, балтараа сылга дылы – фазан, икки сылга дылы – дед, онтон бирикээс таҕыстаҕына – дембель диэн ааттанара. Биир Маматов диэн узбек сержант баара. Батальон санинструктора. Ол артыыс киэһэ аайы бэйэтин молодойдарын сордуура (хоз. взводтары)
  • Сколько дедушке до приказа – дии-дии шалбан туруорара. Ким хас күнү сыыспытынан тиксэрэ. Эбэтэр речевка эттэрэн сордуура. Утуйаары сытан:
  • Масло ели день прошел – диэн хайа барара. Оччоҕо взвод барыта:
  • А дембелям спокойной ночи! – диирэ. Сороҕор түүнҥү вождения оҥортороро. Молодойдар сыттыктарын кууспутунан расположения биир өттүттэн иккис өттүгэр дылы орон аннынан сыыллаллара. Хайдах оннук кырыктаах киһи фельдшер буолбута эбитэ буолла.

Онуоха холоотоххо биһиги дедтарбыт дьон-дьоно этилэр. Хаста да миигин көмүскэһэн тураллар. Сайын остолобуойу ремоннаары полевой кухняҕа аһатар буолтара (ПХД-га). Онно бэйэбит кателокпутун, куруускабытын, луоскубутун илдьэ барарбыт. Ити сэриилээх киинэлэргэ көстөр курдук буолааччы. Аһаан баран иһиппитин онно кранҥа сууйан баран кэлэрбит. Биирдэ аһаан баран иһиппин сууна турдум. Эмискэ иннибэр котелок кэлэн “талыгыр” гына түстэ. Эргиллэн көртүм биир иккис ротаҕа сулууспалыыр таджик күлэн ырдьаҥныы турар.

  • Ээ сержантик помой мою посуду – дии-дии тииһин быыһынан силлии турар. Хараҕым хараҥарарга буолла да кателогун сырайыгар бырахтым. Өйдөнө илигинэ эбиитин ахтатын анныгар тэбэн саайдым. Киһим “тостон” түстэ. Ону кытта эмискэ сыҥааҕым уот аһыйа түстэ. Охтон иһэн көртүм уже хас да буолбуттар. Бары среднеазиаттар. Тэппиттэрин хата успейдаан илиибин тоһуйан биэрдим. “Сиир буоллулар” – диэн санаа охсуллан ааста. Эмискэ били миигин охсубут уол мин аттыбар сууллан түстэ. Көртүм эмиэ биир хара уол саайсан эрэр эбит. Ойон туран истэхпинэ ким эрэ илиибиттэн тутта. Көртүм Сабралиев эбит. Илиибиттэн ылан кэннин диэки аста. Ону кытта Завгородняй эмиэ баар буола түстэ. Били хара уолу эмиэ тохтоттулар. Ынарааҥҥылар айдааннара сүрдээх да Сабралиевтаах Завгородняйтан толуннулар. Инньэ гынан айдаан тохтоон хаалла. Иһиппин ылан стройга туран дьиэлээтим. Кэлин ол хара уол сахатын билбитим. Сэмиэнэп Бааска диэн Ньурба уола этэ. Иккис батальонҥа сулууспалаабыта. Хата киһиҥ мин сахабын билэр эбит этэ. Мин саҥа кэлэ сылдьар буолан билэр да уолаттарым аҕыйах этилэр. Биир Леха баара ол күн нэрээккэ буолан суох этэ. Баара буоллар кини да көрөн туруо суоҕа этэ. Ол Бааска кэлин постка туран массыына угоннаабыт киһини тутан биһиги иннибитинэ, бирикээс тахсаатын дьиэлээбитэ. Кэлин ол уолаттар хаста да атаакалаан баран тохтообуттара. Ону бириэмэтигэр кэпсээн иһиэҕим. Онтон ыла орто азиялартан сэрэнэр буолбутум. Дьиҥэр улахан кыаҕа да суох буоллаллар үөрдүһэллэрин сөбүлүүр этилэр. Тохсус маай чаҕылыйан күн да күн буолан көрүстэ. Сассыарда гарнизон плацка стройдаата. Армияттан биир генерал кэлбит. Дьэ чиккэҥнэһии диэтэҕиҥ! Стройга биһиги полкабыт инники турар. Онтон полкаҕа биһиги батальон бастакы буоллаҕа. Полк командира подполковник Онищенко гарнизону хамаандалаан баран генералга дакылааттыы барда. Дакылаат кэннэ генерал полканныын стройу кэрийэ бардылар. Духовой оркестр лиһиргэтэн олорор. Бастаан биһиэхэ строевойунан чиккэҥнээн кэлэн тохтоотулар.

  • Здравствуйте товарищи мотострелки! – диэн дорооболосто.

  • Здравия желаем товарищ генерал! – батальон дорооболосто.

  • Поздравляю вас с 34-хлетием Великой Победы!

  • Ураа! Ураа! Урааа! – бөҕө буоллубут. Дьэ доҕоор, оркестр тыаһынан доҕуһуолланан чиэс биэрэн баран дорооболоһо-дорооболоһо строй түгэҕин диэки чиккэҥнии турдулар. Биримээнэ чаас аҥарыттан ордон баран төннөн кэллилэр. Онтон биирдэ:

  • Вольно! - диэн босхолоотулар. Дьэ онтон трибунаҕа тахсан сыалай чаастаах лекция аахта. Ол кэннэ трибуна аннынан строевойунан хааман аастыбыт. Ааһаат үргүччү салдааскай кулуупка бардыбыт. Үөрүүлээх мунньахха. Маннааҕы кулууп урукку чааһым киэниттэн быдан эргэ уонна кыра буолан биэрдэ. Биһиги инники буолан баттыбыт быһыылаах. Кэлинҥилэр баппыттарын билбит суох. Дьэ эбиэккэ дылы полк хамандьыырын бирикээһин аахтылар. Оччо уһун туох бирикээһэй? – диэн ыйытыаххыт. Бастатан туран – сыбаанньа үрдэтиитэ. Ким ефрейтор, ким сержант, ким старшина. Иккиһинэн – түөскэ кэтиллэр “Отличник Советской Армии” знагынан наҕараадалааһын. Үсүһүнэн – үчүгэй саллааттары уоппусканнан наҕараадалааһын. Төрдүһүнэн – знамяҕа хаартыскаҕа түһүү. Мээнэ киһи знамяҕа хаартыскаҕа түспэтэ. Чэ уонна грамоталар, благодарностьтар. Мин саҥа киһи тугум кэлиэй. Аныгыскы тохсус маайга миигин да наҕараадалаабыттара. Пока биһиги Сабралиевпыт “Отличник” буолла уонна знамяҕа түһэр буолла. Завгородняй эмиэ “Отличник” буолла. Өскөтүн рядовой көрдөрүүтэ үчүгэй буолла да “Отличник” буолар буоллаҕына сержанҥа ыарахан. Эн хамаандалыыр отделенияҥ көрдөрүүтэ үчүгэй буоллаҕына биирдэ “Отличник” буолаҕын. Эбиэттээн баран эһээлэрбит сидьиҥ ньиэмэстэри кыайбыт өрөгөйдөөх күннэрэ буолан сынньанныбыт. Кырдьык дьэ сүдьү бырааһынньык. Урут да, билигин да улаханнык убаастыыр күнүм. Барҕа махтал буоллун кыайыыны уһансыбыттарга! Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин! Кинилэр баар буоланнар бу чуопчаара олордохпут. Ый бүтэһигин диэки урукку состаабы, Сабралиевтан уратыларын, атын роталарга көһөртөөн кэбиспиттэрэ. Аҕыйах хонук бэйэбит эрэ бэһиэн толугураһа сылдьыбыппыт. Хата ол сылдьан техника пааркатын баран көрдүм. Дьэ техника арааһа мунньустубут сирэ манна эбит. Иҥин араас буускалартан – таанкаларга тиийэ. Баран механиктарга БТР-дарын оҥороллоругар көмөлөстүбүт. Дьэ тэрил эбит ээ,БТР-50ПК диэн. Урут, учебкаҕа, биир да техниканы көрбөтөхпүт. УР-га анаан үөрэппит буоланнар ДОС-тар, казематтар, башнялар, капонирдар эрэ бааллара. Биһиги взвод бары да бииргэ батыах курдукпут. Онтубут биһиэнэ үс эбит. Бэс ыйын саҥатыгар, дьурууһунайдыы турдахпына, эбиэт кэннэ штабка ыҥырдылар. Тиийбитим таһырдьа били “халааттаахтарым” хаамса сылдьаллар. Формаланан иҥин бары биир көрүҥҥэммиттэр. Эмискэ, дьон быыһыттан, били ненеһим тахсан кэллэ. Билбит быһыылаах.

  • Товарищ сержант разрещите обратиться – чиэс биэрэн баран.

  • Разрешаю.

  • Товарищ сержант Вы меня помните?

  • Конечно. Ты-же тот самый ненец.

  • Да, да! Вы меня возьмите к себе.

  • Это куда?

  • Ну к себе в роту. Сейчась идет распределение по ротам. Вы тоже на распределение пришли да?

  • Не знаю. Просто вызвали к начальнику штаба. Если что возьму – диэтим. Штабка киирбитим дьуһуурунайдар бөҕө мустубуттар. Кырдьык пополнениены үллэстии буола турар эбит. Биир капитан тахсан хас биирдии батальонҥа хастыы тиксэрин аахта. Бастакы батальонҥа түөрдуон саллаат эбит. Уонна бастакы буолан бастакыннан тахсан саллааттарбын хомуйан барар буоллум.

  • Мээнэ ылан барыҥ. Кэлин комбаттаргыт дөкүмүөннэһиэхтэрэ – диэтэ. Тахсыбытым били толпаны стройдаппыттар. Биримээнэ үс сүүсчэ саллаат баар быһыылаах.

  • Ким первай батальонҥа сулууспалыан баҕалаах тахсыҥ – диэтим. Били ненеһим бастакыннан ойон таҕыста. Кинини кытта сүүрбэччэ киһи таҕыста. Сырайдарыттан көрдөххө орто азиялар.

  • Забирай еще двадцать и освободи площадь – хапытаан ыксатар. Строй устун хаама сылдьан өссө сүүрбэ саллааты таллым. Биримээнэ “кулут ырыынагар” кулут талар курдук. Тиистэрин эрэ көрбөппүт. Бу сырыыга араас омук барыта баар. Онтон аахтан көртүм өссө да биир тиийбэт. Саамай инники биир уһун, хатыҥыр нуучча турарын ыҥыран ыллым. Дьэ ол түөрдуон киһибин батыһыннаран, били аҕыйах хонуктааҕыта бэйэм “хочугураабыт” суолбунан, хаһаарыма диэки хаамтара турдум. Хаһаарымаҕа кэлбиппит эмиэ үнүргү хартыына. Майор Парфёнов курилкаҕа замполиттыын табахтыы олороллор. Кирилиэскэ Сабралиев турарын курдук турар. Онтон Леха турбут сиригэр Толстихин турар. Комбатка дакылааттабытым кэннэ эмиэ үнүргү кэнсиэрт буолла. Комбат, ол кэннэ эмиэ замполит Петров. Эмиэ тимэҕинэн бүтэрдэ. Онтон комбат эргиллэн:

  • Сабралиев забирай отсюда одиннадцать бойцов – диэн дьаһалымсыйда. Сабралиев түһэн талан барда. Үксүн земляктарын ылар. Мин тиийэн били ненецпин уонна бүтэһик уһун нууччаны ыҥыртаан таһаардым.

  • Давай этих возмем. Вроде не плохие мужики.

  • Мне не мужики а солдаты нужны! – дьик-дьах саҥарда. Онтон сапсыйан кэбистэ.

  • К себе в отделение возмешь! А теперь иди в свое дежурство! Хайыахпыный дьурууһунайым эбээһинэһин толоро бардаҕым дии. Кылаабынайа бэйэм талбыт уолаттарбын ылар буоллубут. Хаһаарымаҕа киирэн дьуһуурустуба туттарыытыгар бэлэмнэнэн бардым. Сабралиевтаах Толстихин дьоннорун батыһыннаран киирэн түгэх диэки аастылар. Били мин талбыт уолаттарым бааллар. Киэһэ нэрээттэн кэлэн баран дьэ көрдүм. Били мин талбыттарбыттан уратылара орто азиялар. Сырай-харах олоруута ыарахан. Ол күн сылайан улаханнык билсибэтим. Сарсынынар дьэ билистим. Ненеһим – Яптик Николай Пурович диэн эбит. Табаһыт. Наадатыгар ыстаадаттан Салехардка киирэн хомуурга былдьаппыт. Нууччалыы бэркэ саҥарар. Уһун уолум – Лысенко Виктор Михайлович диэн Комсомольск на Амуре олорор хохол эбит. Идэтинэн фрезировщик эбит.Ону кытта миэхэ Бараан Александр Биче-оолович диэн тувины биэрдилэр. Кыра-хара, сырайа барыта бар бытык. Ол да буоллар киппэ, мөдөөн көрүҥнээх. Арааста сирэн биэрдилэр быһыылаах. Хата бу уол дэриэбинэ да буоллар бэркэ нууччалыы билэр эбит. Чабан үһү. Арба, уонна механигынан Федько сыһыарылынна. Атыттарын Толстихин Сабралиевтыын үллэһиннилэр. Онно икки тувин, икки туркмен, биир киргиз, биир казах уонна биир уйгур бааллар эбит. Өссө биир узбегы ордук биэрбиппит диэн киэһэлик төттөрү ылбыттар. Онон пополнение уон киһи буолла. Өссө биир сержаны кытта биир механик кэлиэхтээх эбит. Ол күнтэн ыла пополненияны кытта үлэлэһэн бардыбыт. Үксүн Толстихинныын сылдьабыт. Арба, взводпутугар отделение ПТУРС диэн баар эбит. Ружейкаҕа түөрт муннуктаах дьааһык сытара. Рюкзак курдук кэтиллэр. Ол кэлиэхтээх сержаммыт ол тэрил специалиһа эбит. Биһиги үһүөн да билэр суох дьонобут. Сабралиев эмиэ биһиги учебкабытын бүтэрбит СПГ-ист. Икки туркмен уонна киргиз нууччалыы олох куһаҕаннык саҥараллар. Өй да өттүнэн лаппа мөлтөхтөр. Холобур маннык кэпсэтии буолбуттаах.

  • Глычлиев ты это понимаешь? – Толстихин ыйытар.

  • Понимаешь? – диэн баран кип-киэҥ харахтарынан ып ыраастык көрөн кэбиһэр.

  • Глычлыев ты соображаешь?

  • Соображаешь? Өйдөтө сатаан баран кэтэххэ биэрдэҕинэ:

  • Понимаешь, понимаешь – дии-дии кэҕиҥнээн бөҕө буолар. Аны киргиз Умарабы өйдөтө сатаан күнү-күннүктээбитин кэннэ:

  • Я русски не поняль – диэн саайбат дуо! Тувиннар, казах, ненец, уйгур нууччалыы лаппа билэр этилэр. Биирдэ матчасть үөрэтэ олоробун. Бу сырыыга Толстихин нэрээккэ буолан кини саллааттарын кытта үөрэтэбин. Раймханов диэн узбек Умаровтыын бэйэлэрин тылынан баллыгыраһыы бөҕө буола олороллор. Хаста да сэрэппиппэр Умаров тохтоото. Раймханов утары көрөн туран мааттаан саайбат дуо! Бастаан бэйэтин тылынан, онтон нууччалыы. Ыллым да түҥнэри тэбэн түһэрдим. Киһим өссө туох эрэ диэн дьаллаҥныы-дьаллаҥныы бу туран кэллэ. Арааста уолаттарыгар эрэнэр быһыылаах. Сырайа мэлтэйээтин кытта туора сотон кэбистим. Ол аайы турбата. Саҕатыттан харбаан туруору тардан таһаардым.

  • Аны биирдэ миэхэ маатырылыаҥ да сааххар буккуйуом – диэн куттаатым. Умароба өкдөҥнүөх курдук буолан иһэн тохтоото. Ол кэннэ ол күн этэнҥэ ааста. Түүн утуйа сыттахпына ким эрэ тардыалаата. Уһуктан кэлтим үрдүбэр түөрт “пачка” ,дьурууһунай уот сырдыгар, күлүгүрэн тураллар.

  • Вставай сержант сейчасть бить будем – диэн буолла.

  • В чем дело? – Раймханов үҥсүбүтүгэр кэлбиттэрин сэрэйдэрбин да. Аттыбар сытар Сабралиев уһуктан кэллэ.

  • Что вы здесь делаете мужики?

  • Мы пришли научить твоего сержантика, он ударил нашего земляка Раймханова.

  • А ну-ка идите все отсюда! Пока не встал!

  • Ты что Куат? Какого-то якута загораживаешь!

  • Сейчасть встану и кому очень плохо будет!

  • Ладно, ладно! Уходим! А ты якут помни – мы еще встретимся! – диэн сааннылар. Сарсыныгар Раймханабы Сабралиев саҥарбат буолуор дылы дрочи гынна. Туалет да ыраастатта, расположенияны да натиркалатта, курилканы да ыраастатта. Онтон ыла көмүскэһээччилэр кэлбэт буолтара. Раймханов да үөхсэрэ тохтообута. Хас да хонон баран дьэ били сержаммыт уонна механикпыт кэллилэр. Эмиэ биһиги призывтарбыт эбиттэр. ПТУРС отделениятын командирынан младшай сержант Владимир Черников диэн Владивосток уола кэллэ. Онтон механигынан Нижняй Тагилтан сылдьар Федя Нейковчен диэн болгарин уол кэллэ. Толстихин биһикки нэрээккэ сылдьарбыт дьэ арыый аччаата. Сороҕор мин кинини, кини миигин солбуйар этэ. Пехоталар үксүн стрельбаҕа, тактикаҕа сылдьар буоланнар нэрээккэ үксүн биһигини туруораллара. Онон дьэ “һуу” гынныбыт. Батальоннҥа нэрээти таһынан КПП-га дьуһуурустубаҕа эмиэ сылдьарбыт. Уопсайынан гарнизонҥа икки КПП баар. Куорат диэкиттэн кэлии бастакы, онтон станция диэкиттэн кэлии иккис. Бастакы КПП-ны биһиги батальон, иккиһи – иккис батальон көрөрө. Бастакы КПП-нан командирскай массыыналар уонна пропустаах офицерскай городок массыыналара сылдьара. КПП-га ааһыахтаах массыыналар испииһэктэрэ, нүөмэрдэрэ суруллан турар.Арба, өссө куораттааччы эппиһиэрдэр, дьонноро, үлэлиир дьон сылдьаллара. Барыта пропуһунан этэ. Онтон атыттар – грузовойдар, бронетехника иҥин иккис КПП-нан сылдьаллара. Сороҕор эппиһиэрдэр грузовой массыынаннан кэлэн бастакы КПП-нан ааһа сатааччылар. Куораттан кэлбит киһи иккис КПП-нан киирэригэр гарнизону эргийиэн наада. Сыалай биэс километр эргиир. Ону киллэрбэт буола сатыыгын. Аһардыҥ да гарнизон комендана майор Чернайы кытта кэпсэтэҕин. Ол КПП-нан ааспыт массыына эбэһээт комендатура аттынан ааһар. Быһата Чернай түннүгүн аннынан. Биирдэ комбаты грузовой массыынаннан аһардан гауптвахтаҕа олорон тахсыбыттаахпын. Хата, комбатым ол киэһэ босхолообута. Массыына ааһаатын кытта телефон тырылыы түспүтэ.

  • Дежурный первого КПП младший сержант .... слушает – представись гынным. Трубкаҕа хас да этээстээх маат кутулла түстэ. Бүтэһигэр:

  • Сейчасть вышлю выводных, вы арестованы на трое суток! – диэн баран телефон хам барда. Тохтуу түһэн тыын ылан баран батальонҥа Сабралиевка звоннаатым.

  • Комбаты аһардаммын гауптвахтаҕа үс хонукка тутулуннум. Саҥа нэрээттэ ыыт – диэтим. Өр кэтэһиннэрбэккэ выводнойдар бу баар буоллулар. Бирикээстэрин тута сылдьаллар.

  • Кэтэһиҥ. Билигин саҥа нэрээт кэлиэ – диэн кэтэһиннэрдим. Өр-өтөр буолбакка Толстихин нэрээтин батыһыннарбытынан бу баар буолла. КПП-бын туттаран баран саллааттарбынаан гауптвахтаҕа хомбуойданан саллаҥнастыбыт. Киэһэ хб-бытын аҕалалалларын кэтэһэн олордубут. КПП-тан парадканнан кэллэхпит дии. Эмискэ аан тыаһа хачыгыраан аһылынна.

  • Где мои – диэбитинэн комбат былтас гынна.

  • Здесь – диэтибит.

  • Собирайтесь! Пошли домой! – диэтэ. Тахсан иһэн Чернайын үөхсэр. Хайдах гынан Чернайы хайыппытын билбэтим. Кылаабынайа ол киэһэ ороммор утуйбутум. Ол Чернай миигин ити бүтэһик эрэ олордуута буолбатах этэ. Уопсайа ол дойдуга син хоно сатаабытым. Бүтэһик түбэһэн баран тахсыыбар:

  • Хайдахтаах саллааты иитэн таһаарбыппыный – диэн бэйэтин хайҕанара. Ол дьиэлиэм биир ый иннинэ этэ. Арба, ол кэннэ эмиэ сылдьыбыттааҕым. Ол гынан баран Толстихины таһаара.

  • Товарищ майор отпустите старшего сержанта Толстихина.

  • За какие заслуги?

  • Товарищ майор он сегодня демоблизуеться.

  • Вместе него кого арестуем? Может тебя?

  • Никак нет товарищ майор! Я тоже демоблизуюсь. Хара ачыкытын үрдүнэн үөннээхтик көрөн баран:

  • Ладно забирай! – диэн баран суругун суруйан биэртэ. Ити арыый эрдэлээтим да буоллар гауптвахта, Чернай туһунан биирдэ кэпсээри суруйдум. Ити темаҕа өссө да төннүөҕүм. Пока, дьиэлиэхпэр дылы – өссө да уһун балтараа сыл баара. Ити курдук син кэм кыралаан саҕарыҥнаан истэ. Биир сассыарда тыҥ эрдэ”Тревога” буолла! Түҥ-таҥ таҥнан оружейкаҕа сүүрдүбүт. Мэхээнньиктэр бүлүмүөттэрин сүгээт паркаҕа сүүрэ турдулар. Дьэ атыттар таһаҕаспыт элбээн биэрдэ. Туох баар бэйэбит сэппитин-сэбиргэлбитин таһынан үс СПГ-быт, икки “Фагоппут” баар дии. Өссө “Фагот” чэпчэки буоллаҕына СПГ – дьаабы. Көннөрү сүгүүгэ икки киһи санныга сүгэр буоллаҕына – тревогаҕа дьааһыктары соскойдотоллор. Дьааһыга бэйэтэ түөрдуонча киилэ. Онон түөрт киһи тостоору гына-гына соһор. Чэ примерно уһун холодильнигы охторон баран илдьэ иһэр курдук. Аны онтубут үс дьааһык. Бэйэбит да бөхпүт баһаам. Дьэ ол туохтааххыт диэтэххитинэ – автомат, ыстыык, лаппаакы, подсумок, каска, мөһөөччүк, шинель, ОЗК(общевойсковой защитный комплект), противогаз. Мөһөөччүккэ – луоску, курууска, кателок, иннэ, сап, подшивка, табаах(моршанскай махорка), испиискэ, антидот коробката, тэтэрээт, уруучука уонна шлемофон. Өссө сержанҥа – планшетка, флажоктар. Сороҕун умуннум быһыылаах да буоллар син үксүн эттим. Дьэ сээкэйбитин сыһан-соһон пааркаҕа тиийдибит. Паарка кураанахтыйа быһыытыйбыт. Пехоталар уже тахсан ырааппыттар. Биһиги икки БТР-быт эстэн тураллар. Үһүс эстибэккэ турар эбит. Комбат зампотех майор Коровины кытта кэлэн состорон тахсыҥ диэтэ. Хайыахпытый буксирдаан баран таҕыстыбыт. Гарнизонтан тахсан бөлкөй ойуурга тиийэн алдьаммыт БТР-бытын хааллардыбыт да – дальше айанныы турдубут. Онно биһиэнин курдук соһуллан тахсыбыт иҥин араас техника барыта баара. Араамата эрэ баар массыынаттан – мотуора суох танкатыгар тиийэ. Тоҕо соскойдоотугут диэн ыйытыаххыт. Армияттан, дивизияттан кэлэн бэрибиэркэлииллэр. Тревога саҕаламмыта сүүрбэ мүнүүтэ кэннэ пааркаҕа туох да суох буолуохтаах. Быһата хаһаарыма, паарка кураанах буолуохтаахтар. Ол иһин киитэрэйдээн соһон таһааран ойуурга анньан кэбиһэллэр. Чаас аҥарын курдук айаннаан сопкалар быыстарыгар тиийэн тохтоотубут. Бу запасной район эбит. Сэрии буоллаҕына манна кэлэн обороналаныахтаах эбиппит. Хата кэннибититтэн кухня кэлэн сассыардааҥҥы аһылыкпытын онно аһаатыбыт. Икки чаас курдук турбуппут кэннэ “обой” буолла. Аны төттөрү күккүрээтибит. Төннөн иһэн БТР-бытын ылан аастыбыт. Уопсайынан хас өрөбүл аайы спортивнай бырааһынньык буолара. Сороҕор кросс, сороҕор марш бросок, сороҕор футбол. Кросс күн батальон үс километры сүүрэрэ. Биллэн турар бириэмэҕэ. Норма аһары строгай да буолбатар успейдаабат дьон элбэх буолааччы. Успейдаабатахтар иккистээн сүүрэллэрэ. Мин аһары сүүрүк да буолбатарбын син успейдыыр этим. Үчүгэйэ диэн личнай результатынан. Онон ким да туһугар кыһаммаккын. Били орто азияларым сатаан сүүрбэккэ сору көрөр этилэр. Онтон марш бросок – бу коллективнай сүүрүү. Манна биэс километры сүүрэҕин. Уонна подразделение бүтэһик киһитинэн ааҕыллар. Аны туох баар амуницияҕын, сэпкин-сэбиргэлгин илдьэ сылдьаҕын. Дьэ манна били ортолоруҥ сордууллар. Сүүрэн иһэн:

  • Товарищ сержант не могу! – дии-дии сытынан кэбиһэллэр. Хайыахпытый саҕатыттан ылан, сээкэйин бэйэҥ сүгэн баран, соһон бараҕын. Эрэй диэтэҕиҥ. Ол гынан баран, бэйэлэрин тылларынан, үөхсэ-үөхсэ чорбоҥностохторуна көрүөҥ этэ. Сороҕор буквально сүгэн кэлиллээччи. Футбол. Бу саамай “сөбүлүүр” спортпыт. Стадионҥа батальоннар икки ардыларыгар футбол куоталаһыыта буолааччы. Мин оонньооботор да футболга сүүрүүннэн барарым. Миэхэ кылаабынайа көрүү, ыалдьыы буолбатах. Арба, Сабралиев футболга лаппа үчүгэйдик оонньуура. Сыыһа өйдөөбөт буоллахпына биһиги батальонмут хамаандатын капитана этэ. Мин биир да матч хас ахсаанҥа бүппүтүн билбэппин. Көрбөт да этим. Стадионҥа тиийэн атын саха уолаттарын көрсөн кэпсэтээри эрэ барарым. Уонна онно маҕаһыынтан ону-маны ылан сиирбит. Стадион офицерскай городокка баара. Онон КБО-ҕа хаартыскаҕа да түһэрбит. Күһүөрү сайын, биир күн, тэринэн полигонҥа айаннаатыбыт. Таһырдьа куйаас да куйаас. Эмиэ бөхпүтүн-сахпытын барытын тиэнэн, БТР-дарбытыгар олорон айаннаатыбыт. Тревогаттан атына диэн эрдэттэн бэлэмнэнэн оргууй-наллаан хомунан бардыбыт. Уонна алдьаммыт БТР соһуута суох. Туох баар балааккаларбытын иҥин тиэннибит. Ити сайынҥы дивизия артиллерискай лааҕырдарыгар айаннаатыбыт. Биһиги эрэ буолбатах – полкаҕа баар артиллерия арааһа барыта. Биһиги соседтарбыт 120 мм минометтаах минометчиктар эмиэ.Били хаһаарыманы билиһиннэрэрбэр кэпсээн ааспытым дии. Кинилэр хаһаарымаҕа биһигинниин соседтыы бааллар. Эбиэт кэннэ суолга тахсан стройдаан, колонна оҥорон, быыл бөҕөнү өрүкүтэн айанныы турдубут. Киэһэлик “Тургенево” уйаара-кэйээрэ биллибэт полигонугар быыл бөҕөнү бүрүнэн тиийэн кэллибит. Дууб ойуур быыһыгар аһаҕас баарыгар балаакка бөҕө кэккэлээбит. Утары биир майор тахсан ханна балаакка тардынарбытын техникабытын ханна илдьэрбитин көрдөрдө. Дьэ сүөккэнэн балааккалары туруоруу саҕаланна. Биһиги взвод икки балаакка туруордубут. Балааккалары инники балааккаларга тэҥнээн-кыҥаан туруораҕын. Ыраахтан көрдөххө маҥан таҥастаах дьон стройдаан турарын курдук. Балааккалар тас өттүгэр бирка ыйыыгын. Холобур биһиэнэ – 1 ПТВ в.ч. 73430 диэн. Олохпутун оҥостубуппут кэннэ ужин буолла. Толстихин икки саллааты кытта ПХД-га баран киэһээнҥи аһылыгы термоска сүгэн кэллилэр. Аһыы олорон миэхэ:

  • Эйиэхэ сонун баар. Ону аһаан баран киэһэ кэпсиэм – диэтэ.

  • Тугуй ол?

  • Чэ, чэ таайа сатаама! Син-биир таайыаҥ суоҕа – диэтэ. Аһаан баран таһырдьа табаахтыы олордум. Ким эрэ тардыалаабытыгар эргийбитим Дьууруйум.

  • Хайа доор маарыын хаһыытыы сатаабытым дии – көрбөтөҕүҥ!

  • Ханна?

  • Онтон бастакы БТР-га үөһэ мэлэйэн олороруҥ дии.

  • Ээ ону этэҕин дуо? Ити тыаска ытаа да ыллаа иһиллибэт буоллаҕа дии.

  • Били пааркаттан тахсыыга биир БТР туораан биэрбитин өйдүүгүн?

  • Онно баарыҥ дуо?

  • Люктан быган олортум дии.

  • Далбаатааччы ол аата эн буоллаҕыҥ? Мин өссө ааһан иһиҥ диир диэбитим.

  • Дьэ ол мин приветтэһэ сатаабытым.

  • Хайаа Юрка привет! – ити Толстихин кэллэ

  • Федя дорообо!

  • Юрка маарыын аанҥа тугу далбаатаабыккыный?

  • Онтон приветтэспитим дии. Хата эн билбиккин. Табаарыһым билбэтэх.

  • Байаары гынтыҥ буолуо?

  • Билбэтим. Арба, хамнаскытын ылбыккыт дуо?

  • Үнүр ылбыппыт. Хата аччаата – диэтим. Ол саҕана биһиги 10 солкуобай 80 харчыны ыларбыт. Рядовойдар 3 солкуобай 80 харчыны ылаллара.

  • Уолаттар эһиэхэ сюрприз баар. Киэһэ отбой кэннэ барыахпыт. Юрка манна кэлээр.

  • Маарынҥаттан тугу сордоотуҥ этиий!

  • Суох, отбой кэннэ! Отбой да чугаһаата – диэтэ да туран барда. Киэһэ лааҕыры барытын биир сиргэ стройдатан киэһээнҥи поверка буолла. Бары бааллар. Отбой буолла. Сабралиев Черниковтыын бастакы балааккаҕа бааллар. Толстихин биһикки иккис балааккаҕа тойоргуубут.

  • Сабралиев билэр дуо? – диэтим.

  • Көҥүллэппитим – киһим холку.

  • Төһө ыраах барабыт?

  • Чугас-чугас! ПХД-тааҕар чугас. Өр-өтөр күүттэрбэккэ хараҥаттан Дьууруй баар буолла. Хараҥаҕа балааккалар быыстарынан хааман ПХД диэки бара турдубут. ПХД-га чугаһаабыт кэннэ Толстихин биир балаакка иннигэр тохтоото. Биир саллаат мас көтөҕөн киирэн иһэр.

  • Ээ мужик здесь хозяство Васильева? – Толстихин ыйытар.

  • Следующая по курсу – диэтэ. Аныгыскы балааккаҕа тиийэн киирдибит. Балаакка ортотугар остуолга коптилка уотугар үс киһи олорор. Өйдөөн көрбүтүм били биһигини кытта учебкаҕа сылдьыбыт уолаттар эбит. Бары утары туран кэллилэр. Куустуһуу бөҕө буоллубут.

  • Маарыын Федя ПХД-лаан иһэрин көрсүбүппүт – дии-дии күлсэллэр. Кэпсэтэн билбиппит үһүөн соседняй полкаҕа Филиноҕа эмиэ ПТВ-га бааллар эбит. Дьэ кэпсэтии-ипсэтии бөҕө буоллубут.

  • Биһиги бэҕэһээ кэлбиппит. Бүгүн лааҕыр оҥоһуутунан дьарыктанныбыт. Сарсынҥаттан занятиялар саҕаланаллар үһү. Бүтэһигэр стрельбаҕа дивизия куоталаһыыта буолар үһү – хата уолаттарыҥ билэ сыталлар эбит.

  • Ээ Троша били аһы таһаар эрэ – диэн буолла. Трофимов Ваня – диэн Өлүөхүмэ уола төҥкөйөн наара анныттан үс лиитирэлээх стеклянкаҕа кутуллубут ууну хостоон таһаарда.

  • Ити миигин Троша диэн ааттыыллар – Ваня күлэ-күлэ.

  • Маарыын Тургеневаҕа бара сылдьан первач атыылаһан кэлбиппит. Эһигини көрсүөхпүтүн билбиппит буоллар өссө ылыа этибит – диир Хабаровскай Сашата. Дьэ көрсүбүччэ аһааһын буолла. Охсуһуннаран баран хантаахтатыы саҕаланна. Мин урут самогон диэни амсайа илик киһи буоллаҕым дии. Дьэ хайдах эрэ салаан киирдэ ээ. Амтанныын амырыын ас буолан биэрдэ. Чуут төттөрү таһаара сыыстым. Уолаттар күлэн охто сыталлар. Кинилэр билэр буолан сатаан иһэллэр эбит. Хара килиэби сыттаан баран эҕирийбэккэ түһэрэллэр эбит. Чэ быһата киһи куһаҕанҥа түргэнник үөрэнэр. Кэпсэтэ-кэпсэтэ дьаһайан кэбистибит. Испэтэҕэ ырааппыт киһи лаппа ньаппайдым. Уолаттар син уйаллар эбит. Кэпсэтэ түһэн баран дьиэлээтибит. Сассыныттан занятиялар саҕаланнылар. Сороҕор бары бииргэ, сороҕор тус-туспа. Дьэ манна кэлэн сэрии сэбэ элбэҕиттэн салынным. Бары-барыта баар эбит. Киинэҕэ көстөр гаубицалар, классическай пушкалар, былыргы минометтар, түөрдуон уостаах “Градтар”, автоматическай “Василек” минометтар, зениткалар, түөрт уостаах “Шилкалар”, самоходкалар уонна да атыттар. Быһата киһи хараҕа халтырыйар дьаабыта! Итиннэ бос, манна бос! Барыта эстэр, ытар, бурҕачыйар! Иккис нэдиэлэ бүтэһигэр биһиги ытыалыыр күммүт үүннэ. Сассыарда эрдэттэн оҥостуу-туттуу бөҕө буоллубут. Оптикабытын туруоран баран “выверкалаатыбыт”. Ол аата олордон баран сыалын көннөрдүбүт. Примерно аҕыс сүүсчэ миэтэрэҕэ сыал туруоран баран стволунан угар анал тэрилинэн булларабыт, кыҥатабыт. Онтон онтубутун оптиканы сыҕарыҥнатан булларабыт. Ол аата ствол уонна оптика биир сири кыҥыыр буоллулар. Дьэ билигин ытыахха сөп.Хас биирдии взводка тоҕустуу выстрел (снаряд) биэрдилэр. Ол аата биир расчет үстэ ытыахтаах. Онтон ПТУРС-тар ыппат буолбуттар. Кинилэр ракеталара сыаналаах үһү. Онон биир показательнай ытыы эрэ буолар үһү. Взводнайбыт старшай лейтенант Гуптор Валерий Дмитриевич диэн белорус уола. Кини бу лааҕырдар эрэ иннинэ анаммыта. Дьэ ол Гуптор биһигини – Сабралиевы, Толстихины уонна миигин ытыаххыт диэтэ. Ол туһуттан рядовой форматын атастаһан кэттибит. Үрдүк тойоттор вышкаттан көрөллөр. Миэхэ майгынныыр комплекциялаах Яптик форматын кэттим. Бастакыннан биһиги ытар буоллубут. Учебкаҕа биирдэ ыппыппыттан ордук ытан көрбүт суох. Долгуйуу бөҕө. Учебкаҕа биир ытыы өйбөр да хаалбатах. Оннук түргэнник бүппүтэ. Уолаттарым буоллаҕына ыта да туралларын көрө иликтэр. Быһата “не обстреленные” буоллахтара. Эстэн “бос” гыннаҕына хайдах буолуохтара биллибэт. Түөрт буолан СПГ-бытын сүгэн баран сүүсчэ миэтэрэ сүүрэбит. Онтон туруора охсон баран үстэ ытабыт. Бастакы расчет командира – ол аата Яптик. Онтон стволтан мин – наводчик оннугар. Онтон соплоттан Лысенко – заряжающай, бүтэһик Бараан – подносчик. Подносчик үс выстрелын рюкзак курдукка сүгэн баран сүүрэр. Аҕылаһан- мэҥилэһэн позициябытын буллубут. Ыксал-тиэтэл бөҕөннөн атаҕар туруоран бэлэмнэннибит. Хайдах эрэ хантаҕар курдук да оптикаҕа аҕыс сүүс көстөр. Арыый атаҕын аллараа түһэрбит киһи диэн санаан эрдэхпинэ бастакы макет аҕыс сүүстэн туран сүүрэн барда. Макет урут эппитим курдук уон сөкүүндэ, түөрдуон километр скоростаах сүүрэн ааһар. Улахана таанка саҕа. Инники булларбыт буолан ыксаабакка тэһэ ытан кээстим. Ити кэмҥэ хайдах эрэ холкубар түспүт этим. Санаам барыта сыалга этэ. Иккис тыһыынчаттан туран кэллэ. Перекрестияҕа киллэрэн баран гашеткабын баттаатым. Эстибэтэ. Хотя, “готово” диэн баар курдуга эбээт! Хадах эрэ механически уҥуор өҥөйдүм. Сомуогум турбатах. Лысенком кулгааҕын саба туттан баран умса түһэ сытар. Аллараа баттаат оптикабар сыһынным. Макетым хаххаҕа киирэрэ чугаһаабыт. Батыһыннаран иһэн гашеткабын баттаан кээстим. Макетым анара киириэхчэ буолан иһэн сууллан түстэ. Эмиэ казенник халыргаата, сопло сабыллар тыаһа иһилиннэ ону кытта “Готово” хаһыы баара. Бу сырыыга алта сүүскэ таҕыста. Миэнэ кыайан көрбөт. Хаһыытаабытынан СПГ-бын кэннин диэки тартым. Илин атаҕа бруствер буоругар турара. Хата сыҕарыйда. Аны умса буолла. Стволун өгдөппүтүм хата булла. Бу сырыыга да сыыспатыбыт. Ойон туран хомунан төттөрү сүүрдүбүт. Кэлбиппитигэр Гупторбыт хайҕаан бөҕө.

  • Бэркэ ыттыгыт! Маладьыастар! Арба, ити тоҕо бүтэһик ытыы иннинэ тардыаланныҥ?

  • Ээ атахпыт бруствер буоругар турар буолан сыалга алта сүүс көстүбэт этэ. Ону төттөрү тардан түһэрэн биэртим. Саллааттарым олох дөйөн хаалбыттар. Урут итинник улахан тыаһы истибиттэрэ да биллибэт. Учебкаҕа ытарбар уочаракка ортоку соҕус буолан тыаска ууска кыһамматаҕым. Ыталларын элбэхтик көрдөҕүм дии. Лысенкоттан тоҕо туруорбатаҕын ыйыттым.

  • Ити тоҕо сомуоккун туруорбатыҥ?

  • Бастакы ытыы кэннэ дөйөн хаалтым. Бараан биэрбит выстрелын угаат казеннигы сабан баран бүппүт курдук санаабытым. Онтон эн үөхсүбүтүнэн халыгыраппыккар биирдэ бэттэх кэлтим – диир. Толстихин хамаандата бастакыны сыыһан кэбистэ. Бастакы алта сүүстэн таҕыста. Перелет буолла. Арааста эмиэ атахтарын үөһээ ууран кыайан кыҥаабакка ыттылар быһыылаах. Дьэ кыһыы диэтэҕиҥ. Кэлинҥилэрин сыыспатылар. Хомойбут баҕайы сырайдаах дьон кэллилэр. Саблалиевтаах сыыспатылар. Дальше көрбөтүбүт даҕаны. Дьууруйдаах ытаары хаалтара. Лааҕырбытыгар төннөн хомунар аакка бардыбыт. Эбиэт кэннэ развод буолла. Сабралиев биһикки биэскэ, Толстихин түөрткэ ыппыппыт. Арба, Дьууруй эмиэ бэркэ ыппыт. Уопсай итогка биһиги полкабыт бастаабыт. Развод кэннэ хомунан дьиэлээтибит. Эмиэ быылбытын өрүкүтэн дьиэбит диэки түһэ турдубут. Оргууй сыҕарыйан күһүн тиийэн кэллэ. Биир күн Дьууруйбун остолобуойга көрүстүм.Сарсын командировкаҕа ДОК-ка бараары сылдьар эбит. Икки ый буола барар эбит. Кэллэҕинэ биллиэх буолла. Биһигини да уһаабатыбыт. Эмиэ Тургеневоҕа бырахтылар. Бу сырыыга мас кэртэрэ. Полигону кэҥэттэрэллэр. Биһиги батальонтан биэһуонча буолан бардыбыт. Барытын илии эрбиитинэн эрбиибит. Дьэ манна кэлэн мас арааһын көрдүм ээ. Приморьеҕа хатыҥнарын туоһа хара буолар эбит. Мин урут хатыҥ маҥан туостаах эрэ буолар дии саныырым – сыыһа эбит. Соһуйуу бөҕө буоллум. Аны орешнигы көрдүм. Биир синньигэс хахыйах курдук маска сүгэлэнним. Санаабар биирдэ дайбаан кээһиэх курдугум. Но, не тут-то было! Аҕылыахпар дылы тиниктээтим. Онтон уолаттар орешник диэн быһаардылар. Дьэ бөҕө мас эбит. Сүгэ тэйэ сылдьар. Аны суон баҕайы липалар үүнэн тураллар. Киһи маны хайдах эрбиибин диэх курдук. Ол гынан баран эрбээтэххэ суулларбыккын билбэккэ хаалаҕын. Оннук кэбирэх эбит. Аны ойуурдара үксэ дубровник. Отучча сантиметр диаметрдаах дуубу омуна суох чаас эрбиигин. Эрбии саараама хоппот. Аны пробковай мастар бааллар эбит. Ити бытыыкка бүөтэ баар дии. Ону ол мас хатырыгыттан оҥороллор эбит. Сымнаҕас баҕайы халыҥ хатырыктаах буолар эбит. Маһа бэйэтэ ап араҕас буолар эбит. Уолаттар чараас гына кыҥнары эрбээн сувенир оҥостоллор этэ. Онно икки ый курдук сыттыбыт. Биир ый курдук буолбуппут кэннэ Толстихины ыҥыран ыллылар. Кэлбиппит киһибит сержант погоннаах хаама сылдьар. Сабралиев оннугар хаалбыт. Сабралиев дьиэлээбит. Сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүгэр сержант сыбаанньатын биэрбиттэр. Онон сүөм үрдээн сылдьар эбит. Киэһэ каптеркаҕа ыҥыран аһатта.

  • Дьэ уолаттар бу буокканы Сабралиев хаалларан барта. Онон Куат этэҥҥэ дьиэтигэр тиийэрин туһугар уонна “фазан” буолбуппутунан иһэн кэбиһиэҕиҥ – диэн саҕалаата. Онон дьэ “фазан” буолбуппут. Армияҕа этээччилэр: “Фазан птица ленивая” – диэн. Онон фазаннар саамай сүрэҕэ суохтар диэн. Аллараа икки призыв баар уонна дьиэлиэ өссө да сыл баар. Сарсыныттан эмиэ күннээҕи сулууспа саҕаланнаҕа дии. Мин Барааннаах Лысенкобын илдьэ КПП-га бардыбыт.

  • Киһи суох онон хас да хоноргут буолуо – диэтэ комбат. Кырдьык батальонҥа дьон аччаабыт этэ. Ким командировкаҕа, ким дембельгэ, онтон пополнение кэлэ илигэ. Дьэ нэдиэлэ курдук сыттыбыт ээ. Күн аайы звоннаатахпына:

  • Замена суох! – диэн буолар. Хата өтөр-өтөр таҥаспытын уларытан абырыыллар. Парадка ырбаахыта өр буолбат киртийэн хаалар. Уонча хоммуппут кэннэ Черников тиийэн солбуйда.

  • Эйиэхэ сюрприз баар – диэтэ.

  • Тугуй ол?

  • Чэ, чэ батальонҥа тиийдэххинэ көрүөҥ – диэн баран сурунаалга илии баттаан эрилитэн кэбистэ. Хаһаарымаҕа тиийбиппит тумбочкаҕа Салчак турар.

  • Дьуһуурунай кимий?

  • Саҥа сержант кэлтэ, бэҕэһээ – дии-дии мучүҥнүүр. Арай, оружейкаттан Дьууруйум тахсан кэллэ.

  • Бэҕэһээ эһиэхэ көһөрдүлэр – диир. Онон эмиэ бииргэ сылдьар буоллубут. Бу үчүгэйин! Ол курдук күннээҕи үлэҕэ, сулууспаҕа бириэмэ бардар баран испитэ. Били наивнай дэриэбинэ оҕотуттан кыраҕа ымыттыбат сэрииһит буолбуппут. Били соһуйа истэр мааппыт бэйэбит төрөөбүт тылбыт курдук буолбута. Били сытар ынаҕы туруорбат дьон эмэһэҕэ да тэптэхпитинэ көҥүл буолбуппут. Армияҕа маннык девиз баар:

  • Не хочешь – заставим, не умеешь – научим! Ити барыта маат, сутурук, саппыкы нөҥүө ситиһиллэрэ. Оһуобанна орто азиялар куруук албынныы-көлдьүннүү сатыыллара. Өйдөөн туран чааһы быһа:

  • Не поняль – дии туруохтарын сөбө. Онно үчүгэй соҕустук сүүскэ биэрдэххэ дьэ түргэтээччи. Инники эппитим курдук иҥин араас омуктар элбэх этилэр. Ол гынан баран баһыйар өттө орто азиялар этилэр. Урут сэмэй соҕустук, билигин бэлэстэрэ хайдарынан орто азиялары аймах гына сатааччылар бааллар. Тылбыт эрэ майгыннаһарыттан. Улаата сатаан улуу түүрк омукка сыста сатыыллар. Ити хаһыытааччылар, ити омуктары ханна көртөрө буолла. Киэһээ аһыырдаах киһи кыттыспат омуктара. Ол кэриэтэ улуутуйбатах ордук. Былыр улуу нуучча убайдаах этибит. Онтон убаизмынан дьарыктанымаҥ диэн буолта. Аны ити омуктары убай гына сатыыллар. Сах сиэтин! Ити омуктар сахаҕа туох да кыттыгаһа суох омуктар. Сырайдыын-харахтыын, туттардыын-хаптардыын олох атын омуктар. Быһата мин ити омуктары элбэхтик көрбүтүм. Биир киһи итэҕэйэн разведкаҕа илдьэ сылдьар киһитин көрбөтөҕүм. Баҕар атаҕастанан үөхсэр диэххит. Суох! Атаҕастаппатаҕым. Ол гынан баран кэннигиттэн кэлэн ойоҕоскор күлэ-күлэ быһах анньыах курдуктар элбэх этилэр. Ол кинилэр национальнай натуралара. Ол оннугар Кавказ уолаттара көнө буолааччылар. Биир кабардинец Ахмед диэн повар уол баара. Кыра, киппэ көрүҥнээх, токур муруннаах этэ. Ол уол батальонҥа көҥүл сылдьара. Утары көрөр киһи суоҕа. Ол гынан баран олох боростуой этэ. Биирдэ түүн дьурууһунайдаан олордохпуна киирэн кэлтэ.

  • Пойдем, выйдем – диэн ыҥырбыта. Ол иннинэ көрөр этим да айах атан кэпсэтэ илигим. Батыһан таҕыстым. Киһим курилкаҕа олорор.

  • На закури – диэн сигарета биэрдэ. Пачкатыттан табаах ылан уматынным.

  • Ну как служиться?

  • Да ничего нормально. Онно олорон табахтыы-табахтыы уһуннук кэпсэттибит. Киһим сассыардаанҥы аһылыгын буһара бараары сылдьар эбит. Онтон ыла доҕордоспуппут. Дембельгэ барарбар саҥа парадка иҥин булан биэртэ. Дьиҥнээх доҕор этэ. Сороҕор дьуһуурустубаҕа турдахпына түүн хортуоска ыһаарылаан, эбэтэр шашлык буһаран ыытааччы. Бэйэтин санаатыттан. Биирдэ Толстихин ыйытар:

  • Доор, ити Ахмеды хантан билэҕин?

  • Ээ дьурууһустубаҕа туран билсибитим – диибин.

  • Онтон мин кэпсэтэбин да тоҕо эрэ миигин хааччыйбат дии?

  • Ону мин хантан билиэмий! Бэйэҥ ыйыт ээ – диэн тохтоппутум. Дьэ оннук, табаарыстаһыам дии санаабатах киһибинээн табаарыстаспытым. Биир күн биһиги сэриилэрбит Афганистанҥа киирбиттэрин иһитиннэрдилэр. Уонна баҕалаахтары суруйабыт диэтилэр. Мин Дьууруйбунаан суруйа да барбатыбыт. Били эппиккэ дылы: “Ийэбит, аҕабыт дойдулара” буолбатах. Ол дойдуну төбөбүтүгэр да оҥорон көрбөппүт. Дьэ били орто азияларбыт буолан турдулар. Заявления суруйа-суруйа төттөрү- таары хаамыы-сиимии диэтэҕиҥ. Кинилэр обургулар сырайдыын сырдаабыт курдук буоллулар. Нууччалыы биир тылы холбоон суруйбат бэйэлэрэ бирээмэ бүлүмүөт курдук суруйаллар. Таарыччы тувиннары агитациялыыллар. Бараан сапсыйан кэбиһэн баран лэппэрдии турда. Оһуобанна били туркменнар туруннулар. Арааста дьиэбитигэр барыахпыт дии санаан эрдэхтэрэ. Бастаан утаа сэриини көрдөрбөт этилэр. Саллааттар стройдаан баран хаама сылдьалларын көрдөрөллөрө. Үһүс дуу, хаһыс дуу күнүгэр замполит кэлэн:

  • Мантан кими да ылбаттар, эһиги эмиэ передовой кыраайга бааргыт – диэн кэпсээтэ. Онно туркменнар сырайдарын көрүөҥ этэ. Ити кэннэ ким да онно таласпат буолта. Кыһын устата учение иҥин бөҕө буолла. Субу-субу онно таскайданыы. Сааһыары батальоннай учение буолла. Биһигини полигон биир баһыгар илдьэн быраҕан кэбистилэр.

  • Өстөөх ол диэки баар, онон манна окопата хастан бэлэмнэниҥ – диэтилэр.

  • Арба разведка үлэлиир, онон сэрэхтээх буолаарыҥ! – диэн эбии куттаатылар. Киэһэттэн саҕалаан позиция хастыытыгар түстүбүт. Тараччы тоҥон хаалбыт таастаах буору түүнү быһа хастыбыт. Киһи кыһалыннаҕына ол буорбут хоҥнон да бэрт. Кыра да куһуоччугу ойутарга тылгын быһа ыстыахха дылы аҕылыыбыт. Түүн позициялары кэрийэ бардым. Хаҥас баска бастакы рота быыһыгар Яптик бурҕачыйа сылдьар. Син дириҥэппит. Кэпсэтэн баран уҥа диэки бардым. Үнүргү стрельба кэннэ кулгааҕым ситэ бэттэх кэлэ илигэ. Ол стрельбаҕа шлеммытын умнан тиийэн кулгаахпын тыаска саайтарбытым. Онон дөйүҥү соҕус этим. Кэрийэн бүтэһик иннинээҕи окопаҕа тиийдим. Бараан турар. Лаппа ырааппыт. Кэпсэтэ-кэпсэтэ табаахтыы турдубут.

  • Глычлиийап төһө хаспыт? – ыйытабын. Бары бэйэ-бэйэлэриттэн сүүрбэччэ миэтэрэ тэйиччи хаһаллар. Бу хараҥаҕа ол ыраах. Көстүбэт даҕаны.

  • Ээ, соторутааҕыта табаахтыы кэлэ сылдьыбыта. Кыра диир быһыылааҕа – дии-дии кэтэҕин тарбанар. Онтон бараары гынан эрдэхпинэ Глычлиийэп диэки туох эрэ саҥа иһилиннэ.

  • Табаарыс сержант Глычлиийап “Немцы” диэн хаһыытаата – диэн Барааным тылбаастаата.

  • Бардыбыт! – диэтим да сүүрдүм. Бараан лаппаакытын туппутунан кэннибиттэн саппай уобуста. Тиийбиппит киһибит лаппаакыта эрэ сытар.

  • Все сюда! – диэн хаһыытаан баран дьон суолун көрөн батыһан сүүрдубүт. Хата уолаттарбыт бу ситэн кэллилэр. Дьон суола утары баар бөлкөй талах диэки барбыт. Сүүрэн истэхпитинэ талах кэнниттэн икки автомаат үлэлээтэ. Биһиги утары сүүрэн тиицдибит да үрдүлэригэр түстүбүт. Син утарылаһыах эбиттэр да элбэхпит турдаҕа. Бэйэлэрин хам баттаан тутаттаан ыллыбыт. Глычлиийэппит айаҕар тирээпкэлээх бааллан чоройо сытарын босхолоотубут. Били дьоммутун хонбуойдаан комбат балааккатыгар илтибит. Комбат көрөн баран күлэн охто сытар. Туппут дьоммутуттан биирдэстэрэ комбаппыт соседа, развелрота эппиһиэрэ эбит. Биһиги киллэрэн дакылааттаан баран төнүннүбүт.

  • Глычлиийап хайдах туппуттарай? – диэн ыйытабын.

  • Эмискэ, иннибэр хаар туран кэлбитэ да үрдүбэр түспүтэ. Успейдаан хаһыытаан хаалтым – диир. Саҥата суох ылан бартара буоллар билэн да бэрт. Онтон саллаат сүтүктэнэн айдаан буолуо турдаҕа. Арба, ол разведчиктары ыыталаабыт этилэр. Оонньуу быраабылатынан тутуллубут разведчиктары ыыталлар эбит. Онтулара комбат балааккатын часовойун “сойботон” барбыттар этэ. “Сойботон” диэбиккэ дылы армияҕа уоруу туһунан кыратык кэпсии түһүүм. Уоруу син обществаҕа курдук кыралаан баар буолааччы. Ол гынан баран саллаат саллааттан уорсара аҕыйах буоллаҕа дии. Онон олох кыра буолааччы. Хата ол бу техниканы, таҥаһы-сабы, сэби сэбиргэли уораллара. Холобур, вооружения ыскылаатыгар курууска үлэлии сылдьан биир дьааһык наступательнай граната тутан тахсыбыттаахпыт. Хата, аны ылыма диэбиттии ол гранататтан “ыт” буола сыыспыппыт. Биирдэ полигонҥа сайынҥы лааҕырдарга сырыттыбыт. “Били” баҕайыбытын быраҕаттыыр баҕа баһаам. Уонна кыһыны быһа муспут ботуруоннарбыт да баара. Ботуруону уорбакка да киһи булара. Дьуһуурустубаҕа турдахха түүн-күнүс пехоталар стрельбаҕа бараллара. Онтон ытыалаан кэллэхтэринэ старшиналарыттан көрдөөтөххө пачканнан быраҕан биэрээччи. Пачкаҕа отут ботуруон киирэр. Дьэ онон ол сэппитин бэрибиэркэлии, автоматынан ытыалыы ойуурга киирдибит. Онно полигонҥҥа куруук тыас уус баһаам дойдута. Онон биһиги тыаспытыгар ким да кыһаныа суохтааҕа. Кыра аһаҕас баарын булан онно бэрибиэркэлииргэ сананныбыт. Бастаан ону-маны, мутугу иҥини барытын ытыалаан көрдүбүт. Дьэ онтон кыранаат кыыратыытыгар турдубут. Бастаан син этэнҥэ баран истэ. Биир-биир сүүрэн кэлэн экчиргэлиибит. Онтубут радиуһа уон биэс миэтирэ диэн. Онтон Умтамишев диэн туркмен бырахта. Хайдах эрэ халты тутан дуу, бэйэтэ оннук үөһэ бырахпыта дуу – кыранааппыт чугас соҕус турар дуб мас лабаатын таарыйда да уонча миэтэрэлээх сиргэ түһэн эһиннэ. Дьэ үрүө-тараа ыстанныбыт ээ. Саамай чугас мин туртум. Хайдах эрэ хаҥас санным аһый гыммыта. Туран бары көрүнүү бөҕө буоллубут. Биһиги дьолбутугар ким да табыллыбатах. Арай биир оскуолак мин уҥа санныбын таарыйан ааспыт. Барбах царапина. Ону ылан бэрибээскилээн кэбистибит. Онон кырынааттанан бүппүппүт. Ол баас кыайан оспокко сордообута. Уопсайынан Приморьеҕа баас кыайан оспот этэ. Сылы-сылынан атахтарыгар тахсыбыт баас оспокко госпитальга сытааччылар. Онон тыла суох үөрэтэн турар. Аны били учениябар төннүүм. Сассыардаанҥа дылы наһаа дириҥ да буолбатар окопа бэлэм буолбута. Бу санаатахха сэриигэ хайдах хастан сылдьаахтаабыттара буолла. Биһиги ити түүнү быһа сордонон хаһынныбыт. Арай үрдүбүтүнэн буулдьалар ыйыластахтарына хайыа эбиппит буолла... Сассыарда аһыы олордохпутуна комбат киирэн кэллэ.

  • Пехотаҕа дьон тиийбэт. Онон баҕалаахтары пехотаҕа атаакаҕа киириигэ ыла кэллим – диэтэ. Баҕалаах көстөн биэрбэтэ. Мин Дьууруйбар имнэнним.

  • Ноо, пехотаҕа барыахха. Пехоталары кытта сулууспалаан баран биирдэ наступленияҕа сылдьыбакка барыахпыт дуо? – диибин.

  • Ээ кырдьык, бара да сылдьыахха буоллаҕа дии.

  • Табаарыс майор биһиги барабыт – диэтим.

  • Онтон ким ытыалыыр? – ити Гуптор.

  • Онтон Толстихин да баар дии.

  • Чэ, чэ барыҥ! Дьууруйбунаан автомаатпытын ылан пехоталарга бардыбыт. Тиийбиппитигэр иккилии граната, иккилии пачка ботуруон биэрдилэр. Уонна ханна туруохтаахпытын, ханан барыахтаахпытын ыйдылар. Кыһыл ракетаны кытта бардахпыт дии. Иннибитигэр хаары өрө ытыйан таанкалар иһэллэр. Бастакы сүүс миэтэрэҕэ сыыспыппытын дьэ биллибит. Хаар халыҥа сүрдээх. Тобукпутун үрдүнэн. Өссө сыаптаан баран ыта-ыта сүүрүөхтээх үһүбүт. Дьэ айах атыы буолла. Аны халлаан сылыйан хаар сыста сылдьар буолбут. Хаатынкабыт бэйэтэ бууттаах буолбут. Хайа эрэ кэмҥэ таанка колиятыгар түбэстим. Дьэ уонна онтон туораан бэрт. Бүтэһик позицияны суккуруур тыыным эрэ тиийбитэ. Пехоталар да илистибит көрүҥнээхтэрэ да куруук маннык сылдьар дьон үөрүйэх эбит этилэр. Хаамаллара-сүүрэллэрэ сүрдээх этилэр. Бүтэн төннөөрү броняҕа хатааста сылдьан көрдөхпүнэ биһиги дьоммут БТР-дарыгар хочугураһан олороллоро. Хаар-сиик буолбуттара көстүбэт. Төннөн кэлэн балааккаҕа киирбитим бары сүүс аҥыы көрөн олороллор.

  • Тугу гынаары пехотаҕа барбыккытый? Эһиги бараҥҥыт күлүүгэ киирдибит! – Гуптор хаһыытыы көрүстэ.

  • Туох буолла табаарыс старшай лейтенант?

  • Ити сэпкит ыппата – диэн баран СПГ диэки көрөн кэбистэ.

  • Тоҕо?

  • Эһиги специалисткыт дуу – мин дуу? Гуптор СПГ-ны билбэтин билэр этибит. Кини улахан артиллерияттан кэлбит киһи. Онтон син үөрэтэн билиэ этэ да – аргылыырыттан орпот этэ. Дэлэҕэ отуччатыгар дылы “старшойга” иҥнэ сылдьыа дуо?

  • Биһиги.

  • Оччоҕо быһаарыҥ! Чаас аҥарынан повторнай стрельба буолар. Биһиэхэ эрэ! Комбат лично тутуом диэбитэ. Уонна эн ытаҕын – диэн баран мин диэки көрөн кэбистэ. Таһырдьа тахсан Толстихинтан тоҕо ыппатаҕын тоокколостум. Киһим билбэт.

  • Хаста да түһэрэн көрдүбүт да выстрел суох! Хасыһыы саҕаланна. Барыта миэстэтигэр курдук. Онтон эмискэ өй киирдэ:

  • Контактары соппуккут дуо?

  • Суох.

  • Пахай ол аата арыыта тоҥо сырыттаҕа дии? Контактарбытын нэһиилэ хостоотубут. Баллаччы арыы уонна муус. Конечно бу нөҥүө искра ааспат буоллаҕа дии. Тирээпкэ ылан килбэччи ыраастаан биэрдим. Уйатын эмиэ сатыырбынан ырастаан биэрдим. Ытарга дьэ бэлэм буолла. Дьиҥэр Толстихин бэйэтэ да өйдүө эбит. Үөрэтэллэр ээ. Баһаалый кэлинҥи кэмҥэ үксүн мин бэлэмнээн ытааччыбыт. Комбат кэлбитигэр баран ыттыбыт. Биир макет туруорбуттарын бастакы ытыыннан тохтоттум. Уонна макет орпотох. Онтон билигин да икки выстрел баар. Комбат хонуу ортотугар турар самоходкалар сэмнэхтэрин ытыалатта. Бу да сырыыга сыыспатым.

  • Бу профессионал! Маннык буолуохтаах этэ, инникиттэн! – диэн комбат хайҕаата. Эбиэт кэннэ “обкат танком” буолла. Дьэ хаһан да манныкка түбэспэтэх киһиэхэ ынырык дьыала. Бары уонтан тахса миэтэрэ арытаах суолга сытабыт. Илиибитигэр гранааталаахпыт. Таанка биир баһыттан кэлэн оргууй аҕай үрдүбүтүнэн ааһар. Аһардан баран туран кэнниттэн гранатабытын быраҕабыт. Таарыйбатын биллэрбит да куттаныы бөҕө. Олох бэргэһэҥ иһигэр баттаҕыҥ туран хаалар. Таанка тиһиликтэрэ талыгыраабытынан бу тиийэн кэлэллэр. Олох ойон туран туора ыстаныах санаа бөҕө. Дьэ туора да ыстанааччылар да бааллар. Ааспытын кэннэ граната быраҕалларын умнааччы да баар. Мин төһө да куттаннарбын син үрдүбүнэн аһартым уонна гранатабын бырахтым. Инньэ гынан сордоон-муҥнаан син бары аастыбыт. Сорохтор иккис сырыыга да буоллар. Саас кэлэн халлаан сылыйан үчүгэй баҕайы буолла. Биир күн КПП-тан эмиэ гауптвахталаатым. Бу сырыыга утуйан. КПП дьурууһунайа түүн утуйар. Ол оннугар күнүс үлэтэ баһаам буолар. Кэлэр барар дьону, массыынаны бэрибиэркэлиибин. Эмиэ быыһык кэм буолан сыппытым үһүс күнүм. Сааскы дембельлэр уже сыҕарыйан эрэр кэмнэрэ. Арай, массыына сигнала бөҕө буолбутугар уһуктан кэллим. Ойон туран түннүгүнэн көртүм боруотаҕа хара “Волга” анньыллан турар. Дневальнайдарым көстүбэттэр. Чаһыыны элэс көртүм биэс илик. Ыксал үлүгэрдик аан диэки ыстанным. Тахсан иһэн көртүм анараа хоско дневальнайдарым иккиэн өттүгэстээн сыталлар. Ааһан иһэн ороннорун тэбэн аастым. Таһырдьаа ааны аһан иһэн ыгыччы кыыһырбыт полковникка кэтиллэ түстүм.

  • Че за бардак сержант!

  • Товарищ полковник...

  • Молчать! Развели бардак! Из-за расхлябанносьти вот такого погибают невинные люди! Дьэ уонна сүүрбэ этээстээх маат куппат дуо! Хайа муҥун хайа бара туруой кини да буоллар син тохтоото.

  • Где телефон? Ыйан көрдөрдүм.

  • Мне майора Черного! Хоть из-под земли достаньте! Полковник Катанаев! – диэн баран телефону талыр гыннара уурда. Дьэ уоскуйан сырайбытын өйдөөн көрдө.

  • Где я тебя видел сержант?

  • Не знаю товарищ полковник.

  • Где-то я тебя видел! А, вспомнил – прошлом году на стрельбище в Тургенево. Это ты стрелял из СПГ да?

  • Так точно товарищ полковник!

  • Национальность?

  • Якут. Ол кэмҥэ телефон тырылыы түстэ.

  • Катанаев! Майор Черный я снимаю наряд на 1КПП! Действуй! – диэн баран ууран кэбистэ.

  • Ладно стрелок открывай ворота! – диэн баран тахсан барда. Уолаттар боруотаны арыйан аһардылар. Ити комдив полковник Катанаев кэлэн ааста. Улахан уҥуохтаах, тор курдук бытыктаах осетин киһитэ. Кэлин генерал буолбут диэбиттэрэ. Өр кэтэһиннэрбэккэ нэрээт кэлэн эмиэ комендатураҕа дылы арыаллаата. Чернай үллэ кыыһырбыт киһи көрүстэ. Уонна биэриэхтээх үс сүүккатын суруйан гауптвахтаҕа атаарда. Эбиэт кэннэ выводной төттөрү комендатураҕа таһаарда.

  • Полковник Катанаевы хантан билэҕин? – Чернай тоокколоһо тоһуйда.

  • Билбэппин. Маарыын эрэ кэпсэппитим. Чернай дөкүмүөммүтүн уунан баран сапсыйан кэбистэ.

  • Иккистээн тута иликпитинэ сүтүҥ! – диэтэ. Хомунан дьиэлээтэхпит дии. Тоҕо таһаарбыттарын билигин да билбэппин. Ол киэһэ батальонҥа биир айдаан буолла. Оружейкаттан бистэлиэт сүппүт. Ол күн дьуһуурустубаҕа дембельлэр турбуттар. Ким да ылбыта биллибэт. Нэрээти эмиэ илдьэ бардылар. Кэпсээннэриттэн иһиттэххэ ол күн комдив эрдэ кэлэн тревога оҥорбут. Онон оружейкаҕа сүүһүнэн киһи сылдьыбыт. Биэс хонон баран олор гауптвахтаттан тахсыбыттара. Ол оннугар ол бистэлиэт көстүөр дылы дембельлэри ыыппакка диэбиттэрэ. Батальон дембельлэрэ олох от ыйыгар дылы көрдөөбүттэрэ. Күн-аайы сассыардааттан көрдөөн бараллара. Биирдэ эмиэ КПП-га хас да хонон кэлтим бары барбыт этилэр.

  • Хайа дембельллэр?

  • Бэҕэһээ бистэлиэттэрин булбуттара уонна киэһэ дьиэлээбиттэрэ. Өрбөххө сүүланан баран кирилиэс анныгар кистэнэ сытарын булбуттара – диэн Толстихин кэпсээбитэ. Тохсус маай күн ити үөһэ кэпсээбитим курдук буолла. Атына диэн бирикээскэ биһиги ахтыллыбыппыт. Толстихинҥа старшай сержант, Дьууруй биһиккигэ сержант сыбаанньатын биэрдилэр. Уонна миигин отличник знагынан наҕараадалаатылар. Кэлин комбат күлэрэ:

  • Отличник буолбуккар майор Чернайга махтан, Чернай эйигин олорпотоҕо буоллар отличникка таһаарыахтара биллибэт – диирэ. Биһиги батальонҥа сахалар син баар этибит. Уопсайынан полкаҕа да элбэх этибит. Барыларын тустарынан суруйа олордоххо ханна да баппат кэпсээн буолар. Ол да буоллар сорохторун бириэмэтигэр кэпсээн иһиэм. Күһүн учебкаттан хоз.взводка поварынан Местников Сашка диэн Уус Алдан уола поварынан кэлбитэ. Кини били Ахмедтыын остолобуойга үлэлиирэ. Биир батальонҥа буолан хам-түм көрсөр этибит. Саас төрөөбүт күнүм буолла. Арай түүн ким эрэ тардыалаабытыгар уһуктан кэллим. Уум быыһынан көртүм Саашка эбит.

  • Убаай тур! Төрөтө кэллим – диэтэ да аан диэки кэккэлэтэ турда Таҥнан киһибин батыһан таһырдьа таҕыстым. Таарыччы Дьууруйбун уһугуннаран аастым. Тахсыбыппыт Саашка курилкаҕа табаахтыы олорор.

  • Манна көстүүтэ бэрт, ынтах сарайдар кэннилэригэр барыаҕыҥ – диэтэ. Сарайдар кэннилэригэр баран скамейкаларга баран олордубут.

  • Дьэ ноо, төрөөбүт күнҥүнэн эҕэрдэлиибин! Уонна бу мин сэмэй бэлэҕим баар – диэн баран мөһөөччүктэн икки бытыыкка кыһылы уонна кыра сокуусканы таһаарда. Онно олорон үһүөн кэпсэтэ-кэпсэтэ дьаһайан кэбистибит. Онно дьэ үөрбүтүм ахан. Уол итини хантан булан аҕалбытын билбит суох. Кылаабынайа киһи баар диэн санаан аҕалбытыгар махтал. Хас да хонон баран эмиэ Тургенево5а мас кэрдэ бардыбыт. Бу сырыыга саас буолан үчүгэй этэ. Хата иҥин араас үөн көйүүр элбээн ол сэрэхтээх этэ. Бастакытынан эриэн үөн элбэҕэ салыннарбыта. Урут эриэн үөнү көрбөтөх буолан хайдах эрэ сиһим кэдэҥниирэ. Кинилэр обургулар түргэттэрэ сүрдээх эбит. Онтон ууннан олох ракета курдук усталлар. Мин куттанан, сиргэнэн чугаһаабат этим. Нуучча уолаттара таах эккирэтэ сылдьан туталлара. Өлөрөн баран тириитин сүлэн курга кэтэрдэллэрэ. Онно көрдөххө дьэрэкээн өҥнөөх эбиттэр этэ. Аны клещ диэн үөн баар эбит. Бэйэтэ испиискэ сиэрэтин саҕа. Үлэлээн кэлэн баран сыгынньахтанан эккин көрөҕүн. Эбэһээт кимиэхэ эмит киирбит буолар. Оччоҕо киирбит сирин солярканнан сотоҕун. Дьэ онтон били кыылыҥ бэйэтэ тахсан кэлэр. Ылҕаабатаххына иһирдьэ киирэн хаанҥыҥ сүһүрдэр үһү. Уонна биир сассыарда уһуктубуппут балааккабыт таһынан кабан үөрэ ааспыт этэ. Туох баар уот оннун, кухняны иҥин үлтү сүргэйбит этилэр. Арба, кабаннар тустарынан биир Астангалиев диэн казах суоппар уол кэпсээбитэ.

  • Массыынам алдьанан суолга хонор буоллум. Полигонҥа дьон быраҕан баран испитим. Арай сассыарданнан кабан үөрэ тиийэн кэллэ. Кэллилэр да массыынабын тиҥсирийи бөҕө буоллулар. Онтон эмискэ “пуш” гыммытыгар үрэл гына түстүлэр уонна куотар аакка бардылар. Тахсан көртүм биир көлөһөбүн тэһэ ыстаан кэбиспиттэр этэ – диэтэ. Уопсайынан кабаннары улахан кутталлаах сиэмэх кыыллар дииллэрэ. Дьэ оннук мас кэрдэн уонча хонугунан ирээппит бүтэрэн төннүбүппүт. Кэлээт почти үргүччү границаҕа аастыбыт. Особистар кэлбит күммүт сассыныгар кэлэн бэрибиэркэлээтилэр. Дьонҥун иҥин, сууттаммыккын иҥин тоокколоһоллор. Били уйгур уолбутун сыыйан кэбистилэр. Кытайга уйгуурдар элбэхтэр үһү. Дьэ онон массыынаҕа тиэллэн границаҕа айаннаатыбыт. Өр-өтөр гыммакка икки хос тардыллыбыт колючкаҕа тиийэн иҥиннибит. Ол колючкалар икки ардыгар били следовой полосалара көстөр. Эмиэ бэрибиэркэ ааһан иһирдьэ аастыбыт. Өр-өтөр гыммакка заставаҕа сыыгынатан тиийдибит. Эппиһиэрбит киирэн начальниктыын тугу-эрэ быһаарыстылар. Биһиги таах олоруохтааҕар вышканы бэрибиэркэлээтибит. Перилалаах килилиэһинэн өрө сүүрэн таҕыстым. Иэдээн үөһэ тахсыбыппар биирдэ буолла. Арай, үөһээ платформаҕа тахсыбытым вышкам хамсыыр эбит. Биримээнэ итирик киһи курдук иэҕэҥниир. Куттаммыт санаабар уҥа-хаҥас миэтиринэн саайталыыр. Атаҕым көһүйэн хаалбыт курдук. Дьэ били сүүрүүннэн тахсыбыт киһи мастыйбыт атахпынан нэһииччэ түстүм. Бу кирилиэһэ уһунун. Сири булан баран дьэ “һуу” гынным. Мин да курдуктар элбэх этилэр. Тугу гына айгыстан кэллигит диэн ыйытыаххыт. Конечно – пограничниктыы буолбатах. Хотя, биһиги да уолаттарбыт границаҕа баран сулууспалаан кэлэллэрэ. Онно сылдьан бастакы ротаттан сылдьар уолу көрсүбүппүт. Сыалбыт сорукпут боп-боростуой. Пограничниктарга окопа хаһыыта, урукку окопаларын көннөрүү. Биһиги заставаттан тэйиччи балааккаларбытын туруоран үлэлээн бардыбыт. Бастакы күммүтүгэр Уссури үрдүгэр баар окопалары көннөрдүбүт. Кыараҕас соҕус өрүс эбит. Биһиги өттүбүтүттэн патрульнай катердар эрэ ааһаллар. Ынараа өттүттэн балыктааччы, сөтүөлээччи иҥин баһаан. Быһата ынараа өттө босхо-көҥүл эбит. Сарсыныгар иһирдьэ биир сиргэ эмиэ окуопа хастыбыт. Хата тааһа суох сир түбэһэн абыраата. Аттыбытыгар яблоневай саад баара. Ити кэмҥэ сибэккилээн ахан турара. Дьэ сити кэмҥэ сыта диэн сүрдээх буолар эбит. Дыргыйан сыт да сыт. Олох киһи тумнастыах курдук!

Били ырыаҕа ылланарыныы: Дурманом сладким веяло когда цвели сады... Сад диэбиккэ дылы Тургеневоҕа барар суол устатын тухары саадтар элбэх этилэр. Биһиги ааһан иһэн налет оҥорон ааһааччыбыт. Дьэ итинник границаҕа баран үс хонон кэлбиппит. Сулууспа эмиэ кыралаан оннугар түһэн оргууй аҕай сыҕарыҥнаан истэ. Границаттан кэлбиппит үһүс күнүгэр хоз.взводтар целинаҕа бардылар. Саашка онно поварынан барыста. Биһиги взводтан Лысенконы илдьэ бардылар. Күнү быһа эшалонҥа тиэнэн Казахстан диэки күккүрэтэ турдулар. Бэс ыйын 19-һа үүннэ. Ураа! Стодневка! Бирикээс тахсыар дылы 100 хонук хаалла. Сассыарда туран дедтар бары тараҕайдыы кырынныбыт. Ити традиция. Атын чаастарга хайдаҕын билбит суох. Уонна сассыардаанҥы арыыбытын молодойдарга биэрдибит. Ити эмиэ традиция. Мантан ыла күн аайы – күн ааҕыытыгар түһэҕин. Маматов курдук дьону сордооботор да күнү көтүппэппин. Киһи ити кэмҥэ тиийэн баран дойдутун ахтар буолар эбит. Урут ыраах баҕайы курдук санаан баардылаабакка сылдьыбытым – биирдэ өйдөөбүтүм баара-суоҕа сүүс эрэ хонук хаалбыт. Бу күнтэн саҕалаан кыралаан дембельгэ бэлэмнэнии саҕаланар. Саҥа форма булунаҕын, альбом оҥостоҕун, блокнот булунаҕын. Кэпсэтииҥ барыта ол буолар. Сайын Москваҕа олимпиада буолла. Киирэ-тахса ону көрөн аралдьыйабыт. Эмиэ сайынҥы лааҕырдарга баран кэллибит. Уонна үксүн дьуһуурустубаҕа тэпсэҥниибит. Мин Дьууруйу солбуйабын, Дьууруй миигин. Биирдэ эмиэ батальонҥа дьурууһунайдаан турдум. Отбой эрэ иннэ этэ. Арай көртүм хаһаарыма анараа баһыттан Сакаев диэн үһүс рота технига, старшай сержант сүүрэн иһэр. Кэллэ да үргүччү таһырдьа ыстанна. Хайдах эрэ киһи холуочук диэх курдук. Армияҕа кистээн аргылааһын ханна барыай. Онтон киирэрин көрбөтөҕүм. Старшиналара бары бааллар диэн дакылааттаабыта. Арай түүн аан оргууй сэгэйэн Сакаев киирэн кэллэ. Баһыттан атаҕар дылы бадараан.

  • Сүрэҕим тохтуу сыста. Узбектар тугу эрэ биэрбиттэр быһыылаах. Урут анаша тардар этим даҕаны маннык буолааччым суох. Атын туох эрэ күүстээҕи биэрбиттэр быһыылаах, бадараанҥа сытан өйдөннүм – диэн баран хаһаарыма түгэҕин диэки саллаҥныы турда. Наркотигы кыралаан тутталларын билэр этим. Конопляны куурдан тардааччылар. Биирдэ боруобалаан тардан көртүм. Сөбүлээбэтэҕим. Ол кэннэ чугаһаабатаҕым. Ити курдук кыралаан сыҕарыйан дьиэлиир кэммит тиийэн кэлбитэ. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук да буоллар биһиги икки сылбыт бүтэр уһуга көстүбүтэ. Балаҕан ыйын сүүрбэ сэттис күнэ сассыардаттан чаҕылыйан күн да күн үүннэ. Сассыарда полканы барытын плацка стройдаттылар. Дьэ онтон штаб начальнига майор Горошко оборона миниистирин бирикээһин аахта. Приказ министра обороны СССР № 254 27 сентября 1980 года. г.Москва Об увольнении из Вооружённых Сил СССР в октябре – декабре 1980 года военнослужащих, выслуживших установленные сроки службы, и об очередном призыве граждан на действительную военную службу в соответствии с Законом СССР «О всеобщей воинской обязанности» приказываю : § 1. Уволить из рядов Советской Армии, Военно-Морского Флота, пограничных и внутренних войск в запас в октябре – декабре 1980 военнослужащих, сроки которым истекают до 1 января 1981 г. § 2. В связи с увольнением в запас военнослужащих, в соответствии с пунктом 1 настоящего приказа, призвать на действительную военную службу в Советскую Армию, Военно-Морской Флот, в пограничные и внутренние войска граждан, которым ко дню призыва исполняется 18 лет, не имеющих права на отсрочки от призыва, а также граждан старших призывных возрастов, у которых истекли отсрочки от призыва. § 3. Приказ объявить во всех ротах, батареях, эскадрильях и на кораблях. Министр Обороны СССР Маршал Советского Союза Д. Ф. Устинов.

Бирикээс ааҕыллан бүтээтин кытта “Ураа” хаһыы бөҕө буолла ээ! Онтон үргүччү полка командирын бирикээһин аахта. Бирикээс тахсыбыт күнүгэр бастакы уон киһилээх партияны дембельлииллэрэ. Үөрүүлээҕэ ол бирикээскэ, “штабной крысалары” кытта, үс саха уола дьиэлиир буолбут. Чурапчыттан сылдьар Батаакап Бааска, Ньурба Антоновкатыттан Баһылаайап Бааска диэн развед ротаҕа сулууспалаабыт тустуук уолаттар. Ону кытта били миигин көмүскэспит Сэмиэнэп Бааска. Икки инникилэр спортивнай да, бойобуой да өҥөлөрө элбэх буоллаҕа дии. Онтон Сэмиэнэп Бааска постка туран массыына угоннаабыт киһини туппута. Онно уоппуска биэртэрэ. Дьиэлээри сылдьарын быһыытынан бастакы испииһэккэ киллэрэн дьитигэр ыыппыттара. Дьэ онтон саҕаланна ээ эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да кэтэһиилээх кэмнэр. Өссө алтынньы ортотугар дылы син сүүрбүт-көппүт буоллахпытына – онтон ыла ким да наадыйбат дьоно буола түстүбүт. Алтынньы ортотугар бастакы эшалон арҕаа аттанна. Биһиги онно баппатыбыт. Биримээнэ тэллэх курдук испииһэк ыйаабыттар этэ. Онон күн аайы штабка испииһэк көрө барабыт. Сырыы аайы кураанах төннөбүт. Арай төрдүс дуу хаһыс дуу эшалонҥа молдаваннарбыт бардылар. Сайыһан бөҕө. Кинилэр бараллар – эн хаалаҕын. Пополнение кэлэн барда. Таах сытыахтааҕар нэрээккэ баран кэлэбит. Биирдэ КПП-га хас да хонон кэллим. Кэлбиппэр Дьууруйум таһырдьа утары көрүстэ.

  • Ноо, итиннэ саҥа кэлбиттэргэ эн дэриэбинэҥ уолаттара бааллар – диэтэ.
  • Кимнээҕий ол?
  • Ээ бэйэҥ тахсан көр ээ – хоруйа холку. Тахсыбытым Болуодьа уонна Марк диэн уолаттар эбит. Миигин көрөөт үөрдүлэр ахан. Харахтарыттан уу-хаар баһаллар.
  • Биһиги кэлбиппит аҕыйах хонно да уһун баҕайы буолбут курдукпут. Онтон эн аҕыйах хонуктааҕыта армияҕа бараары сылдьарыҥ да – уже дьиэлээри сылдьар эбиккин – дэһэллэр. Дьэ оннук. Атын киһи армияҕа баран кэлэрэ түргэн баҕайы буолар. Онтон бэйэҥ сырыттахха икки сыл уһунуун! Эмиэ да күн бүтэрэ түргэн курдук да хонук хамсаан биэрбэтэ сүр. Оһуобанна ити бирикээс кэннэ биллэр эбит. Өссө сүүрэ-көтө сырыттахха арыый эбит буоллаҕына билигин олох сордоото. Ким да эйиэхэ наадыйбат, сүүрпэт-көтүппэт. Санааҥ эрэ хаһан ыыталлар диэн. Сэттинньи сэттистиирэ ааста да биһиги сытабыт. Киһи умуннулар дуу диэҕин курдук. Биирдэ эмиэ КПП-лаатым. Эмиэ хас да хонон баран кэллим. Кэлтим Толстихин суох.
  • Хайа Толстихинҥыт? Дьиэлээтэ дуо?
  • Каталажкаҕа.
  • Бай! Ол олорботоҕум диэн бэрибиэркэлии барда дуо?
  • Үнүр Лысенко целинаттан кэлтэ. Кэһиитин аргы аҕалбыт. Ону күөллээн баран таһырдьа тахсан замполитка түбэспит. Киһитэ дембель диэбэтэх Чернайга атаарбыт – Яптик быһаарар. Буоллахпыт ол. Дьиҥэр кини гауптвахтаҕа олоро илигэ ээ. Сарсыныгар күнүс селекторынан Магаданнары ыҥырдылар. Мин комендатураҕа баран Толстихиммын босхолоотум. Дембель диэбэккэ киччэччи кырыйан кэбиспиттэр. Киһим тахсаат штабка тэбиннэ. Киэһэ кэлэн хомунан дьиэлээтэ. Икки сыл бииргэ сылдьан эн миммитин билистэхпит дии. Тахсаары туран:
  • Ты мне “горбатый дембель” обещал – диэтэ. Биирдэ, кухняҕа нэрээткэ сылдьан хаһыытаа да хаһыытаа буолбутугар кэһэтиэх буолбутум. Ону санаатыгар тута сылдьыбыт эбит. Онон Толстихиммытын атааран баран эмиэ сыттыбыт. Саатар нэрээккэ да ыыппат буоллулар. Күнү быһа сыта-тура сатааһын сылаалаах эбит. Батальонҥа дембельлэр олох аҕыйах хааллыбыт. Бары да баран бүттүлэр. Биһиги эрэ күлүк курдук күлүҥнэһэбит. Сэттинньи 22 күнэ үүннэ. Эмиэ уу-чуумпу. Бүгүн эмиэ кураанах буолла диэн сыттыбыт. Отбой буолла. Дневальнайынан турар Бараан киирэн хаһыытаан хайа барда:
  • Бүтэһик дембельлэр бары штабка бара охсор үһүгүт! Дьэ ойдубут ээ! Тиийбитим уолаттар хочугураһыы бөҕө буолбуттар. Уочарат элбээбит. Бастаан фин. чааска, онтон строевойга киирэллэр эбит. Фин. чааска киирбиппэр бүтэһик үс ыйдаах хамнаспын 35 солкуобай 40 харчыны туттаран кэбистилэр. Строевой чааска дөкүмүөнмүн биэрдилэр уонна түүн бииргэ пуойас айанныырын эттилэр. Бүттэхпит ол! Икки сыллаах иэһим бүттэ! Билигин дьиэбэр! Били чааспар бастаан кэлэрбэр ленкомнатаҕа аҕа табаарыһым хаартыската ыйанан турарын кэпсээбитим. Билигин онно аны мин хаартыскам ыйанан турар. Кэлин кэлбит уолаттар ону көрөн мин курдук: “Бу мин билэр уолум” – диэн киэн тутта аллайыахтара. Хаһаарымаҕа кэлэн суунан-тараанан, таҥнан-саптан дьиэлииргэ бэлэм буоллубут. Уолаттары ыҥыран киллэрэн табааҕынан күндүлээтибит. Уура сытар буоккабытын таһааран иһэртибит. Уолаттар гармошкаҕа “Славянка”оонньууллар. Каптеркаттан тахсыбыппытыгар Бараан:
  • Батальон подьем! Уезжают последние дембеля! – дии-дии хаһыытыыр. Бүтэһик төгүл хаһаарыма аанын аһан тахсан 2-с КПП диэки хаама турдубут. КПП-га көрсөн баран станцияҕа бииргэ барыах буолбуппут. Бастакы КПП-нан киирбитим – иккис КПП-нан тахсан барбытым. КПП-га барар суолга итиннэ-манна хааман иһээччи баһаам. Ити барыта бүтэһиктэр уонна атаарааччылар.80-с сыл бүтэһик дембельлэрин кэннигэр КПП боруотата сабылынна. Аны бу боруотаны арыйан киирбэтэх киһи. Оннук да буолуохтаах.Биһиги оннубутугар атын уолаттар хааллылар. Биир уол оҕо сырыытын сырыттым! Саха, киһи чиэһин түһэн биэрбэтим! Икки сыл ийэ дойдум тирэҕэ буоллум. Кылаабынайа билигин дойдубар, дьиэбэр, дьоммор! Аҕынным даҕаны алааспын! Уезжают в родные края Дембеля, дембеля, дембеля! Никуда ни смотри В эти ноябрьские дни Всюду пьяные бродят они!

Унур уулусса5а до5орбун Дьууруйу корсо тустум...

До5орум билбэтэ. Хара5ынан корбот буолбут. Санабынан эрэ биллэ. Киhи сирдээн сылдьар.

  • Былырыын тобобор искэн тахсыбытын эппэрээсийэлэппитим. Онтон сылтаан бу хара5ым корбот буолан эрэр - диэн хобдох кэпсээннээх буолла. До5орум Дьууруй санаата билигин да бо5ох.
  • Аны харахтаммыт киhи. Кордоро сылдьабын. Оссо да корсуохпут! - диэтэ. До5орум Дьууруй этэннэ буол!

Бу кэпсээҥҥэ сыһыарыы курдук хоһоон.

Бүтэһик төгүлүн хаахынаан
Сулустаах боруота хатанта,
Кэннибэр сайыһа хаалтара
Кэнники ыҥырыы уолаттар.

Ол кэннэ аастылар элбэх сыл
Сүүрүктүү сүбүллан сууххайдык,
Ол эрэн – ол кэмнэр харахпар
Бу баардыы көстөллөр ардыгар.

Уон аҕыс саастаахпар этэ дии
Эр киһи суолугар турбутум,
Саа-саадах сүгэммин, курданан
Саллааттыы барбытым дьиэбиттэн.

Икки сыл устата уһуллан
Ийэ сир хаххата буолбутум,
Итиини-тымныыны ааһаммын
Эр-бэрдэ диэн ааты ылбытым.

Сылдьарым тухары омукпун
Үрдүктүк тутаммын кэлбитим,
Сүүс омук быыһыгар тураммын
“Сахабын” диэн күүскэ этэрим.

Ытык иэс бүппүтэ түргэнник
Сэттэ сүүс отут биир күнүнэн,
Киһилии толортум ол иэспин
Кэмсиммэт курдуктуу хойутун.

Бүтэһик төгүлүн хаахынаан
Сулустаах боруота хатанта,
Кэннибэр сайыһа хаалтара
Кэнники ыҥырыы уолаттар.

Добавить комментарий