Главная / Кэпсээ / Кистэлэҥ таптал (учуутал, үөрэнээччи)
Добавить комментарий
Автор: Кыыс - 7 декабря 2019 22:47
Мин биир кыра дэриэбинэ5э тереебутум. Ийэлээх а5ам чааьынай ма5аьыыннаахтара, ону таьынан ийэм иистэнньэн , а5ам ырыаьыт, ункууьут бэрдэ. Бииргэ тереебуттэр 6-ыт. Ус эдьиийим уьуен урдук уерэхтээхтэр, билигин ыаллар. Икки убайдарым иккиэн орто анал уерэхтэри бутэрбиттэрэ, армия5а сылдьыбыттара уонна дьэ бу оннуларын булан иккиэн автосервис уонна строительнай компания арынан эрэллэр. Улахан убайым быйыл ыал буолла, кыра убай бу ааспыт сайын кийиит а5алан билиьиннэрбитэ, кырачаан киьини куутэ сылдьаллар. Чэ наьаа халыйаары гынным. Мин оччолорго 9-с кылааска уерэнэбин. Уерэхпэр отличницабын, активисткабын. Кыьыл мэтээлгэ бараары кыьаллыы бе5е. Арай ол сыл биир физрук учууталбыт атын сиргэ кеьен баран хаалла. Ер ба5айы физрук булбакка эрэй бе5е кердулэр оскуолабыт администрацията. Аны кырыы дэриэбинэ буолан ким да кэлиэн ба5арбат. Онтон дьэ ахсынньы ый саната биир уерэ5ин сана бутэрбит уол кэлэр уьу диэн буолла. Дьэ кэллэ. Арай кердехпунэ ортону урдунэн унуохтаах, кип киэн арылхай харахтаах, тэбис тэн урун тиистэрдээх, мэлдьи мичээрдии сылдьар, бэйэтигэр сеп эттээх сииннээх, спортсмен керуннээх уол киирэн кэллэ. Аны мин кылааспар икки кыыс уонна 5 уол. Аны ол кэмнэргэ кыыьым улаханнык тымныйан балыаьа5а сытар. Дьэ маннайгы физкультура уруога буолла, учууталбытын кытары билистибит Николай Егорович диэн эбит, уруок бутэрэ а5ыйах бириэмэ хаалбытыгар уолаттар мээчик тэбиэлии сырыттылар. Ол кэмнэ мин аттыбар кэлэн олордо кэпсэттибит уерэх хаамыытын. Онон маннайгы уруок буттэ.
Ол курдук кун-дьыл авьан истэ. Одноклассницам ыарыыта улаханнык бэргээн дьоно куоракка кестулэр. Онон кылааспар 5 уолбун кытта бэйэм хааллым. Уопсайынан биьиги поколения5а кыыс олох кэмчи. 10 кылаастар бутуннуу уолаттар. 11 кылааска эмиэ 5 уолу кытта биир кыыс. Ол кыыс саамай чугас дьуегэм буолла. Аата Куннэй диэн. Онтон дьэ онно миигин биир 10 кылаас уола эккирэтэрэ спортсмен, красавчик ол эрэн то5о эрэ кинини себулээбэт этим. Игин араас ис хоьоонноох сурук бе5ену ватсаппар тутарым. Аны дэриэбинэ тугэгэр олорор буоламмын куруук уолаттар миигин атаара бараллара. Аны ол 10 кылаас уола Максим диэн. Кини миигин атаарар буолбута. Мин себулээбэтэрбин да хайыахпыный, со5отох барарбын куттанар буолан атааттарарга куьэлиннэ5им. Максим суолу быьа кэпсээн айа5а хам буолбата. Угус дьон биьигини парочкалар да курдук кереллере. Дэриэбинэ устун араас сурах тар5аммыт этэ. Аны мин дьиэм аттыгар сана квартира тутуллан буппутэ. Эдэр специалистарга диэн этэ. Онно Николай Егорович, Алексей Ньургунович диэн информатик уоллуун олорор буолтара.
Биьиги 9, 10, 11-с кылаастар эдэр учууталлары кытта олус истин до5ордуу сыьыаннаах этибит. Куруук бары бииргэ волейболлуурбут, футболлуурбут. Эдэр учууталларбытын кытта бары холбоон кэнсиэр да туруорарбыт. Кинилэр олус талааннаах буолаллара. Ким эрэ гитарист, ким эрэ ункууьут, ким эрэ олус бэрт хоьоонньут, ким эрэ артыыс бэрдэ, онтон ким эрэ ырыаьыт... Биирдэ олох сана дьыл иннинэ эрэ сана дьыллаа5ы кэнсиэр туруордубут. Онно Николай Егорович "Аптаах тапталга куустаран" диэн ырыаны сыанаттан миигин харах харахха керен туран ыллаабыта. То5о миигин керде5ей? Диэн олус долгуйбутум уонна дьиктиргээбитим. Ол оннук ааспыта. Дьэ сана дьылбыт чугаьатар чугаьаан кэллэ. Сарсын оскуола сана дьыла буолуохтаах. Биьи олох эойуут бутэн танна сырыттыбыт. Кэм да Максим мин атаарабын да дии дии ере эккирии сырытта. Ол сырытьахпытына Николай Егорович кэлэн Сардаана, аргыстаьыах-диэтэ. Мин уерууну кытта Максим эрэ барсыбатын диэн уонна Николай Е до5орум кэриэтэ киьи буолла5а диэммин себулэстим. Максим куьа5аннык кынчарыйаат кэтэх аанынан тахсан барда. Биьи дьиэлээн иьэбит хайа хайабыт санарбат. Николай Е тугу эрэ ыйытар мин нэьиилэ аах ыых диэн эппиэттиибин. Онтон дьиэ чугаьыгар чугаьаан баран эттэ чэ пока Сардаана, сарсын керсуеххэ дылы диэт кууьан ылла. Мин олох да тугу да ейдеебетум.
Арай киэьэлик Куннэй суруйда. Даа, ити Николай Е эйиигин дьикти ба5айытык керер дии, арааьа астынар бьлх дииир. Мин онно еьургэнии бе5е, учуутал бытта да диэтим, миигиттэн 7 сыл улахан да диэтим, уонна до5ор курдук сыьыаннаьар диэн кердум да, Куннэйим олох иннин биэрбэт. Кырдьык, точно туох эрэ баар диэ да диэ буолар. Чэ оно кэпсэтиибит буттэ. Сарсынны кун ууннэ. Сана дьылбыт олус бэрткэ ааста. Студеннар бе5е кэлбиттэр, атын оскуола5а уерэнэ барбыт нэьилиэкпит о5олоро эмиэ тумсубуттэр. Дьэ, аны туунун дискотеката са5аланна. Эдэрдэр диэн дежуонайдыы Николай Е уонна Алексей Нь хааллылар. Арай ункуу ортото биир эдьиийим кэриэтэ студентка подругабынаан фойе5а кэпсэтэ олордохпутуна. Николай Е кэллэ уонна миигин ыныран ылла.
Саамай тугэх турар кабинекка батыьыннаран киллэрдэ уонна эттэ:"Сардаана, баьаалыста туох да диэбэккэ иьит"-диэтэ. Мин себулэстим. "Мин бу оскуола5а эйиигиттэн сылтаан кэлбиппин билэ5ин?"-диэбитигэр мин унан туьэ сыстым. Ынырык соьуйбут куоласпынан:"Мин эьигини манна кэлбиккит кэннэ биирдэ билбитим, уонна эьи курдук киьини олох да билбэт этим. Хантан ол миигин билэн, уонна туох сыалтан манна кэлбиккитий?"-диэтим. Коля:"Биир киэьээ балтым телефонун кере сыппытым. Кинилиин олус до5ордуу сыьыаннаахпыт. Тугу да кистээбэппит. Онон телефоннарбытын кенул хаьабыт. Дьэ ол кере сытан арай Лия(балтытын аата) биир наьаа кэрэ дьуьунннэх кыыьы кытта турар хаартыскатын булан ыллым уонна ыйыттым киниттэн бу кимий диэн. Лия ээ подругам Сардаана диэн, ол улуус ол дэриэбинэтиттэн сылдьар диэн барытын кэпсээтэ. Мин ол киэьээ ватсап кере сыттахпына оруобуна ол Лия кэпсээбит дэриэбинэтигэр Физрук наада уьу диэни булан ылан, тута эрийэн. Сарсыннытыгар хомунаат айаннаабытым"-диэтэ. Мин онно кырдьык Лия диэн дьуегэм инстаграмыгар Коляны кербуппун санаан кэллим. Олус диэн сехтум. Онтон Коля:"Кэлээт харахпынан эйиигин кердеебутум. Онтон эн аргыыйдык устан кабинеттан тахсан кэлбиккин керен олус дьолломмутум. Онно дьэ ейдеммутум, бу оскуола о5отун биир керууттэн таптаан, бу олус ыраах сиргэ кэлэн турарбын. Ейбун туох эрэ баайан а5албыт курдуга. Кэлбиппин олус кэмсиммитим, эйиигин кердум да долгуйабын, тылбыттан матабын" Уонна кип киэн арылхай харахтарынан мин диэки кереет:"Сардаана, мин эйиигин таптыыбын!" -диэбитэ.
Мин олох да буккуллан хааллым. Бу учуутал кэлэн миэхэ тапталга билиниэ эрэ дии санаабат этим. Онно дьэ Коляны ейдеен кердум. Сып сырдык мичээрдээх, киьи эрэ эрэниэх, таптыах курдук уола этэ. Табах да тарпат, аргы да испэт спортсмен бэрдэ. Коля:"Сардаана, бииргэ буолуох"-диэтэ. Мин себулэьэн иьэн ейдеен кэллим бу мэтээл ылыахтаах, учугэй уерэхтээх, бастын поведениялаах кыыс учууталы кытта сылдьарын биллэхтэринэ туох буоларын. Ол эрэн кини харахтарын керен туран аккаастыыр кыах суо5а. Илиибин сиэтэн ылла куускэ тутта. Мин онно ейдеетум таптаабыппын. Хайыам баарай. Таптал барытын сотон кэбиьэр, тебену иирдэр, хара5ы баайар. Себулэстим. Ол эрэн бэйэ бэйэбитигэр анда5айдыбыт. Алексейтан уонна Куннэйтэн ураты ким да билиэ суохтаах диэн. Ити курдук сана дьылбыт буттэ. Киэьээ дэриэбинэ устун хаама бардыбыт. Онно студент кыргыттарбыт ити физруккут ынырык красавчик ди, телосложенията игин кыах бе5е буоллулар. Мин Куннэйгэ ол киэьээ барытын кэпсээтим. Кыыьым мичээрдээтэ уонна:"Сардаанчык, сэрэнэ сырыт!"- диэтэ.
Ити курдук сааспыт тиийэн кэллэ. Колялыын кистээн керсебут. Санаабытыгар ким да билбэт курдуга. Ону баара Максим обургу кербутэ эрэ баара. Аан дойдуну барытын толорбут. Еесе миэхэ кэлэн эттэ:"Дьэ ейденне, ити физругу таптааннын миэхэ наадыйбатах эбиккин, интикэйин эйиигин туьанан баран быра5ыа5а!"- игин бе5е буолла. Мин мэлдьэстим. Сразу Коля5а эрийдим кэпсээтим. Харахпыттан уу туьэ турар. Колям ытаама диэн уоскута сатыыр. Уонна эттэ:"Мэлдьэс"-диэтэ.Дьиэбэр тиийээппин кытта ийэлээх а5ам куустээх кэпсэтии ыыттылар. Кыыьырыы бе5елер. Саакка-сууукка киллэрдин диэн ме5еллер. Мин харахпыттан уу-хаар баьа баьа мэлдьэьэбин эрэ. Куннэйбэр эрийдим. Онтон субэлэстибит уонна Алексей, Коля, Куннэй мин буолан керсеет хайдах гынан бу айдааны тохтотуохха себун толкуйдаан киирэн бардыбыт. Аны ватсап кэллэ завучтан сарсын 5ч директорга киирэ5ит диэн с родителями. Куннэйдээх Алексейы эмиэ ынырбыттар. Чугас дьонноро диэн. Мин олох куьа5ан буоллум. Хаьан да улахан буруйу онорботох кыыс буолла5ым. Колям кууьан олорон уоскутар. Оччо5о син тохтуубун. Онно Алексей эттэ:"Арай биир эмэ оскуола уолун кытта кэпсэтиэххэ уонна ол уол суут буола турда5ына киирэн мин Сардаана уолабын, Сардааналыын сылдьыбыппыт 2 сыл буолла игин диэх курдук эттэ5инэ?-диэтэ. Биьи сирэйбит сырдыы тустэ. Ол курдук Куннэй быраатын, мин одноклассникпын ыныран ыллыбыт кэпсэттибит. Киьибит себулэстэ, Саша мин уолум буолар буолла. Оччо мин соответственно Сашалыын сылдьан, ол физруктуун сылдьыбата5ым биллиэхтээх. Онно Алексей ол курдук этиэхтээх, Куннэй ону подтверждайдыахтаах. Аны Сашалыын хаартыска бе5е5е тустубут. Ону игин барытын Куннэй кердеруехтээх.
Ол курдук сарсынны кун ууннэ. Уерэнэ бардым учууталлар дьиктитик кереллер, о5олор кэлэн ону-маны ыйыта сатыыллар. Мин туох да буолбата5ын курдук тутта сатыыбын. Одноклассник уолаттарым барахсаттар миэхэ наьаа учугэй сыьыаннаахтар этэ. Ол кун кулэ-уерэ биьи Сардаанчыкпыт ама хайаан физруктуун сылдьыай диэн о5ону барытын кытта этиспиттэрэ. 5чааспыт буолла. Арай директор кабинетыгар киирбиппит тереппуттэрим номнуо кэлбиттэр. Кыыьырбыттара сурдээх. 9 сыл тухары тереппут мунньа5ыттан ураты, бастакыларын директорга ынырылыннахтара. Директорбыт бастатан туран Максимы киллэрдэ. Максим тгу кербутун барытын кэпсээтэ, эбэн биэрдэ. Онтон миигиттэн ыйыттылар:"Сардаана ама ити барыта кырдьык дуо?". Мин:"Суох! Мин Николай Егоровиьы манна кэлиэн инниттэн билэбин. Кини мин биир дьуегэм убайа. Лия биьигини олох эрдэ билиьиннэртээбитэ. Онон Николай Егорович миэхэ убайым тэнэ киьи"-диэтим.
Коля эмиэ мэлдьэстэ. Онтон Куннэй эттэ. Максим Сардаананы уруккаттан таптыыр, ол иьин соруйан ону маны толкуйдуур диэтэ. Олох айдаан ыраатта.. тыл тылга киирсии са5аланна...Куннэй онно эттэ Сардааналаах Саша сылдьаллар диэн. Онно кербутум тереппуттэрим сирэйдэрэ сырдаата. Бары уоскуйдулар. Саша киирэн барытын кэпсээтэ. Ол курдук барытыгар Максим буруйдааах аатыран мунньах тумуктэннэ. Биьи Колялыын сылдьарбытын тохтопотохпут. Саас тиийэн кэлбитэ экзаменнарбыт барытын ситиьиилээхтик туттаран тохсус кылааспын тумуктээтим. Сайынын убайдарым, эдьиийдэрим бары сайылыы кэлбиттэрэ. Уеруу-кетуу бары балыктааьын,кустааьын, оттооьун. Ол сылдьан биирдэ телефоммун аьа5ас хаалларан барбыппын бэйэм да ейдеебекке. Онтубун кыра убайым киирэн кербут, барытын аахпыт. Миигин ыныран ылан кэпсэттэ. Мин барытын эттим киниэхэ. Кыыьырда, ол оскуола5а уол баранан Учууталлыын сылдьар буоллун да диэн дэлби мехте. Ол эрэ кимиэхэ да эппэтэх этэ. Сэрэнэ сырыт эрэ диэбитэ.
Ити курдук сайыммыт ааьан куьун эмиэ тиийэн кэллэ. Куннэйим номнуо оскуолатын бутэрэн устудьуон урдук аатын суктэ. Биьи Колялыын сол курдук уоран керсебут телефонунан кэпсэтэбит. Арай Коля армиялыыр буолла. Сэтинньигэ дылы улэлээн баран барыахтаа5а. Миигин атаара киирбэккин да диэн кердеспутугэр. Эдьиийдээхпэр куоракка куулэйдии киирэн баран. Баран атаардым, ер да ер куустуьан туран харах уулаах игин атаарыстыбыт. Салгыы уерэнэ сырытьым. Экзамен игин суох буолан арыый холку сыл. Коля кун аайы телефоннуура. Ол эрэн ахтарым кууьэ ынырыга.син уерэх дьыла бутэн сайын кэллэ. Арай Коля дэлби уларыйбыт курдуга куруук ниэрбинэйдии2 эрийэн кыыьырара, окко-маска барытыгар кунуулуурэ. Ол курдук сырыттыбыт. Саамай эппиэтинэстээх 11 кылаас тиийэн кэллэ. Сэтинньигэ Коля армияттан кэллэ эрээри улэтигэр уже атын физрук баара. Онон дойдулаабыта. Мин со5отохсуйан дуу хайдах дуу, олус санаа5а баттатар буолбутум. Коля дойдутугар бараат да эрийбэт да суруйбат да буолбута. Ыксаан Лия5а эрийбиппэр кыыьым Коля ыал буолбута ээ. Маннаа5ы кыыьы ойох ылбыта. Сотору о5олонуохтаахтар диэбитигэр хара5ым харанарда, дууьам ытаата. Тгу гыныахпын билбэккэ биир сиргэ хатанан олордум. Онтон биир нэдиэлэ ыалдьыбыт аатыран дьиэбэр сыттым. Дьонум оруобуна со5уруу сынньана сылдьар кэмнэрэ этэ. Дьиэбэр со5ото5ун олорбутум. Куну куннээн ытаан тахсарым.
Онтон маннык сатаныа суохтаа5ын ейдеен тебем оройунан уерэхпэр туспутум. Бэркэ 11 кылааспын тумуктээн мэтээлбин ылан. Дьоллоох дьокуускай куоракка уерэнэ барбытым. Коля ол курдук мэлийбитэ. Арай биирдэ Куннэйбинээн парка5а куулэйдии сырыттахпытынан уун утары Коля иьэрэ. Кэлэн приветтарын билсиэххэ син да диэбитигэр биьиги Куннэйдиин куьа5ан буола сыстыбыт. Николай Егорович баьаалыста биьигиннэн оонньоон бутэ5ин да диэн Куннэйим ынырыктык кыыьырба. Уолбут хара5а тахсан бара сыста. Бырастыы гынын мин Николай диэн буотахпын ээ Мин Володя диэммин диэбитигэр. Биьи ессе кулсэн то5о бардыбыт. Ессе ону маны айа тура5ын да сааппат сирэй диэтим мин. Онно уол ыксаан паспорын кердерде. Кырдьык Владимир Алексеевич диэн этэ. Уонна олох да Коля дойдутуттан буолбакка атын улуустан сылдьара. Мин итэ5эйбэккэ Лия5а эрийдим. Кыыьым Коля дойдутугар манна баар диэбитигэр. Коля игирэлээх да оччо диэбиппэр. Кыыьым игирэлээх ол эрээри ол уолу мин хаьан да кербете5ум. Дьонум сана тереебут уолаттартан биирдэстэрин ииттэрэ биэрбиттэр уьу диэбитигэр дьэ итэ5эйдим. Ол кунтэн ыла Володя наар эрийэр суруйар буолбута. Кини Коля курдук эрээри майгыта чынха атына. Колятаа5ар ессе ис киирбэх,сэмэй истин этэ. Кини юрист идэлээ5э. Куоракка дьиэлээх, массыыналаах этэ. Мин киниэхэ Колялыын сыьыаммыт туьунан барытын кэпсээбитим.
Ити курдук Володялыын 4 сыл сырыттыбыт ол тухары биирдэ да этиьэн да меккуьэн да кербетехпут. Ыал буоларга сананныбыт. Кини тереппутэрин кытта билистим. Ер ба5айы о5оломмокко сылдьан баран Володяны иитэ ылан баран 4 уолламмыттар эбит. Олус истин саха ыала этилэр. Ийэтэ кыыьа суох киьи, бэйэтин кыыьын курдук керсубутэ, таптаабыта. Доча диэн ынырара. Онтон дьэ мин дьоммор таьаардым. Тиэрэ кэлэн туьэ сыстылар. Син барытын быьаарбыппытыгар ейдеетулэр. Дэриэбинэ дьоно бастаан ырытан баран. Дьиннээ5ин билэн уоскуйбуттара. Онтон дьэ сыбаайбалаатыбыт. Арай сыбаайба туун Лия эрийдэ ытаабыт куоластаах. Сардаана сарсын керсуех диэтэ. Мин себулэстим. Арай сарсыныгар Лиялыын керсе тиийдим. Сонуммун ыьа то5о кэпсээтим. Кыыьым мичээрдээтэ. Хата убайбын кытта билиьиннэрээр диэтэ. Уонна эттэ нэдиэлэ аннараа еттугэр. Коля авария5а тубэьэн суох буолла диэт ытаан киирэн барда. Мин ах баран олордум. Билэ5ин биьи бииргэ тереебут иккиэбит эрэ. Уонна ити Коля игирэтэ Володя.Кэргэнэ кемеет да сразу малын хомунан о5отун тереппуттэрбэр быра5ан дойдутугар барда. О5оттон аккастанна. Диэбитигэр мин ытаан бардым. Ол курдук ара5ыстыбыт.
Арай туун туьээтэхпинэ Колялывн урут кистээн керсер сирбитигэр сылдьабын, ыраахтан кердехпунэ Коля суурэн иьэр.. Кууьан ылла уруккутун курдук Сардаанчык дии дии куллэ. Уонна эттэ. Миигин бырастыы гын, чыычаа5ыам. Дойдубар тиийэн бастакы тапталбын керсубутум. Кини бириэмэннэй буолбутугар. Ойох ылбытым, олох таптаабата5ым. Куну куннээн, тууну тууннээн эйиигин скныырым. Ол эрэн кыыспыт кун сирин кербутэ. Сардаана диэн. Кини билигин биэстээх. Дьонум керер кыахтара суох, балтым устудьуонка. Онон эйиигиттэн кердеьуем этэ. Баьаалыста ылан о5олоо дуу диэт туманна кубулуйан сутэн хаалла. Арай Вовам уьугуннарда. Киниэхэ барытын кэпсээтим. Киьим кун сарсын айанныах дьоммун кытта билсиэм. Таарыйа кыыьы иитэ ылыахпыт диэтэ. Сарсыныгар айанна туруннубут. Ийэлээх а5ата олус соьуйбуттара уербуттэрэ. Володяны кууьан туран ытаабыттара. Мир уруккуттан бидиннээни диэри барытын кэпсээбиппэр эппиттэрэ. Коля барытын кэпсээбитэ белуун туун туулбутугэр киирэн диэбитигэр олус соьуйбутум. Сарсын кэлиэхтэрэ диэбитэ диэбиттэрэ. Ол курдук кыыспыт Сардаанчык декумуеннэрин барытын онотторон ылбыппыт. Билигин Вова биьи иккиэнюристарбыт. Ус о5олоохпут. Сардаана уонна икки игирэчээн Коля уонна Толя диэн уолаттардаахпыт. Дьыл5а хаан диэн дьикти да буолла5а. Ол эрэн таптал бу сир урдугэр баар. Танара миэхэ Коля оннугар Вованы ыытта5а. Дьоллоохпун. Коля бэйэтин суолун бэйэтэ талбыта. Ол эрэн киниттэн билигин мин аттыбар Сардаанчыгым баар. Кунду аа5ааччыларым тулуйан аахпыккытыгар махтанабын. Дьоллоох буолун. Тапталлаах буолун.