Кэпсээ
Войти Регистрация

Хаҕыс халлаан

Главная / Кэпсээ / Хаҕыс халлаан

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
02.11.2024 12:26
6k 0

An image to describe postАвтор: Тетя 39 - 13 марта 2017 11:50

Хара маннай торуо5уттэн дьиннээх ийэлээх, а5атыгар "лишняй" о5о буолан атын 5 сыл о5оломмотох ыалга иитийэххэ барбыт. Бу ыалбыт аны бу кыыьы иитэ ылан баран утуу-субуу 3 уолламмыттар, онон ити ыалга "лишняй" буолан хаалан, кэргэнэ да, о5ото да суох бу ыалларбыт балтыларыгар иитиллэ барар, дьэ ити курдук илииттэн-илиигэ туох да тапталын билбэккэ улааппыт. Аны ол эдьийбит биолгическай ийэлээх-а5атын оннук куьа5аттар, маннык куьа5аттар диэн кэпсиир идэлээх. Оттон син 8с кылааска дылы о5о, тыа о5отун курдук улаатан испит. Аны эдьийэ улуус центрыгар улэлии барар буолбут, кыыьын илдьэ барбыт. Бу кыыспыт киэн-куон сиргэ тиийэн куьа5ан табаарыстары булсан туора-маары, куулэй оло5о са5аламмыт. Арыгы, табаах амсайбыт. Аны ол о5о кыра чыычаах мэйии тоботугэр тоьо да кыра арыгы испитин иьин ойун сутэрэн сытта5ына хас да буолан уолаттар дьиикэй сирэйдэр кууьулээбиттэр. Кыыс барахсаны сана тиллэн эрэр сибэккини, тулаайа5ы сэнээбиттэр, сыыска-буорга тэпсибиттэр. Бу кунтэн ыла кини билбитэ бу дойду наьаа да куьа5ан сидьин дьонноо5ун, олох олорор хайдах ыараханын, кини биир да комускэтэр, субэ-ама биэрэр, сыллыы-сыллыы уоскутар киьитэ суо5а бу дойдуга, ииппит эдьийэ наоборот ыыстаан-уэ5эн эрэ биэриэ5э. Тугу да кэпсээбэтэ ордук. Бу дойдуттан курэнэр санаалар киирэтэлээн барбыттара. Аны подругалара дьиэхтээн бары ыал атаах о5олоро, куулэйи батыспыттар. Арай оннук куьа5ан санаалар киирэн сылдьар бириэмэлэригэр оскуолаларыгар сана учуутал кэлбитэ.

Бу учуутал (Апрелина Андреевна) бу кыыьы (аатын чэ Зина диэххэ) хайдах эрэ собулуу корбут, бэйэтин кыыьа авария5а тубэспэтэ5э буоллар бу бачча саастаах буолуох уонна хайдах эрэ Зина5а майгынныыр эбит. Бастаан кэлэ туьээт о5олору уэрэтэлээн кэрэн -истэн барбыт. Бу кылааска руководынан анаммыт. Хайдах эрэ Зинаны барыларыттан атын ба5айытын сэрэйбит. Кыыьы кытары кэпсэтэргэ, личнай дьыалатын кэрэргэ санаммыт.

Уруоктар бүппүттэрин кэннэ Апрелина Андреевна Зинаны кытта кэпсэттэ. Кыыс бастаан утаа тоҥуй. соччо-бачча саҥарбат-иҥэрбэт. Учуутала кыыс дьыалатын билсэн хайдаҕын билэн сылдьар. соҕотох эдьийигэр иитиллэн олорорун. поведениета соччото суоҕун. үөрэҕэр куһаҕанын. характера да мөлтөх. Ол да буоллар бу оҕо барахсан туох буруйа кэлиэй куһаҕан иитии. наар сэнэнэн улаатан эрэр дууһатыгар сим-биир туох эрэ үчүгэй баарын курдаттыы чувстуйдуур. Ол курдук бастаан ону-маны күннээҕини эрэ кэпсэттилэр. Зина күн аайы бу дойдуттан хайдах курдук күрэнэрин наар толкуйдуур буолта. санаатаҕына киниэхэ наадыйар ким да суоҕа. туох да интэриэс суо5а. ким да кинини таптаабата. үөрэҕэр эмиэ мөлтөх. туох да өйүгэр киирэн испэтэ. Онтон биир үтүө күн бииргэ үөрэнэр кыыһын сумкатыттан харчы сүппүтүгэр Зинаны балыйбыттара. ону хайаан да биэрэ оҕус диэбиттэргэр. эппиккэ диэри последняя капля дииллэригэр дылы кыыс оскуолатыттан куотан тахсан санаабытын толорого санан били дьиэтин бааньыгар киирбитэ.

Зина ити курдук бу сырыыга куьа5ан санаатын толоруохтаах, онно ким да наадыйыа суо5а. Ол да буоллар наьаа куттанар. Оннук дьэ ытыы-ытыы дьаабылана сырытта5ына учуутала Апрелина Андреевна киирэн кэлэр кыыьы тутан ылар уоскутар, ону кыыс соьуйар, киниэхэ ыалдьар киьи баарыттан. Онтон бу сыллар тухары (почти сана олорор эрэ оло5о) хайдах курдук эрэйи корон олорорун кэпсээн биэрэр. (Кылгатар буоллум) Ити куннэр кэнниттэн кыыс оло5о уларыйар. Киьиэхэ кып-кыра да поддержка тиийбэт эбит сорох моменна. Олоххор учугэй дьонннор бааллара наьаа уэрдэр. Бу кыыс кэлин конон баран уэрэ5эр учугэй буолар, поведениета да тупсар. Учуутала урут кыыьын сутэрэригэр кэргэниттэн арахсар, кини онно кэргэнин буруйдуур эбит, шинатын коруммэккэ тургэн баитык айаннаабытыгар эстэн хаалар, колуоьэтэ, онно кыыстара 7 сааьыгар бу олохтон туораабыт, онтон ыла наар со5ото5ун олорбут. Атын оройуонна улэлии кэлбитигэр оруобуна кыыьын курдук о5ону корсон сэргэхсийэр, уэрэтэр-такайар. Ол гынан ор тута сылдьыбыт санаата сим биир тугунан эрэ тахсан рак буолан наьаа ор эрэйдэммэккэ бу дойдуттан эмиэ туоруур. Зина барахсан наьаа хомойор, ол да буоллар учууталын туьугар уорэххэ киирэн уэрэ5ин бутэрэн улэьит буолар. Ииппит эдьийиттэн тэйэр.

Оннук улэлии сылдьан кэргэнин кэрсэр бастаан ухаживайдаан, сыссан кэргэн ылбыта киьитэ, кыыс о5оломмуттара. Ол о5оломмутугар кини курдук дьоллоох киьи суох этэ. Киниэнэ буолтун иьин киьитэ хайдах эрэ киьи тубэспит була-була кунуулуур, аны кыыьынан кэлбэтэ5ин, тулаайах (при живых родителях) диэн сирэй-харах анньара.Бэйэтэ куулэйи эрэ батыспыт киьи. Ол курдук кыыс эмиэ эрэй оло5о хатыламмыта. Улэтигэр учугэй улэьит, син тонуй со5ус характердаах да буоллар, эрэйдээх олоххо улааппыт буолан олоххо коруутэ-истиитэ атын, дьонно убаастатар. Биир истин подругалаа5а. Кэргэнэ биир утуо кун итирик кэлэн кырбаабытыгар о5отун илдьэ подругатыгар куоппута. Син неделя курдук олорбута, ба5ар киьитэ бырастыы кордуо, тонуннэриэ диэн кэтэьэн корбутэ да, мэлигир, даже о5отугар да кыьаллыбата5а. О5отун танастарын игин уларыттаары дьиэтигэр барбыт. Оттон дьиэ диэн буолуо да, уопсайга улэтинэн кэргэнигэр хос биэрбиттэр.. Арай кэлбитэ кини халаатын кэппит, сотторунан батта5ын баанан баран дьахтар сылдьар эбит. Соьуйуо5унан-соьуйан кыыьым сохто5о ди, кэргэнэ оказывается атын дьахардаах эбит, оссо бириэмэннэй онтуката, бэйэтэ ол биримэ5э улэтигэр. Оттон хайыай саатар эрэ атын дьахтарданнын диэн танаьын хомунан, о5отун малларын ылан подругатыгар бараахтаата5а. Ытыан хара5ын уута да кэлэн абыраабат саатар.

Барахсан оттон подругатыгар кэллэҕэ ди, быраҕыллыбыт, сириллибит киһи. Ол да буоллар кини бу дойдуга аны соҕотох буолбатах, наһаа шылааккай кыыс оҕолоох, онто уже 6ыйыгар сылдьар. Онтун туһугар дальше хайдах олорорун толкуйдуон наада. Подругата кэлбитигэр барытын кэпсээбит хайдах ситуацияҕа киирбитин. Зина үчүгэй үлэлээх онтугар билигин тахсыан наада, оҕотугар няня наймылаһан баран, оттон олороругар подругата "миэхэ олор төһө баҕарар" диэбитин да үрдүнэн "хайдах ол дьоҥҥо ама да подруга буолтун иһин уһуннук олоруомуй сүрэ бэрт" диэн чб дьиэҕэ чэпчэки сыанаҕа хос куортамнаабыта. Чэ ити курдук орун-оннун түһэн син олоҕо саҕаланан барбыта. Оттон ол да буоллар,Зинабыт туга эрэ тиийбэккэ дуу, олоҕор эрэйи көрбүт буолан дуу, соҕотохсуйан дуу кыралаан иһэр буолбут дьиэтигэр, оҕотуттан ньиэрбинэйдиир буолбут. Конечно иһэр дьоҥҥо бэйэлэрин же курдук подругалар түргэнник көстүбүттэрэ. Бастаан утаа пятницаларга, выходнойдарга мустан иһэллэрэ. Оҕотун оннук быраанньыктарыгар илдьэ сылдьар буо. Үлэтигэр дэлби өлөттөрөн кэлэн үлэлии сатыыра, нянялара уларыйа сылдьаллар.

Ол курдук аьыы утах обургу киьини тургэнник ылбыта эрэ баар буолла5а. Кыыспыт уже тетябыт иьээччи суолугар уктэнэр, о5о эрэ, улэ эрэ, барыта суолтата сутэригэр тиийэр. Аны подругата, коллегалара "эмтэт" диэн кэрдэьэ сатаан да биэрбиттэрэ. Хата истиэн оннугар, оьургэнэр этэ "буор иьээччи буотахпын" диэн. Улэтигэр тулаайах диэн харахтарын симэ да сатыыллара, ол да буоллар тахсыбакка, прогула элбээн уураттахтара ди. Биир кун подругата дьиэтигэр тиийбитэ о5ото барахсан со5ото5ун дэлби аччык, кип - кирдээх, бутылкаларынан оонньуу сылдьар эбит, ийэбит сиргэ собутыльниктарын кытта уна-манаа сиргэ охтон утуйа сыталлар. О5отун илдьэ барбытын да билбэтэх этэ. Хоьун арендата бутэн эмиэ ууруллубутэ, ийэ быьыытынан бырааба быьыллыбыта, о5отун подругата опека5а ылбыта. Ол курдук кыыспыт а5ыйах сыл-хонук иьигэр уулусса киьитэ "бомж" буолан хаалар, автовокзал аттыгар баар дьону кытта бодоруьан сырытта. Дьон санаата чараас да буолар эбит, ыарахаттары тулуйбакка итинник судьбаланан хаалла5а. Уулусса5а ыалдьан охтон хаалбытын балыыьа5а илдьэллэр, онно кыайан оруьуйбэттэр уже "цирроз печени" буолбут уонна быара аккаастаата5а. Чэ ити курдук кылгас печальнай кэпсээним буттэ. Арай, арыгы испэтэх эбитэ буоллар тоьо эрэ учугэй суоллар аьыллыа эбиттэр, дьинэр туох да буруйа суох айыл5а о5ото буолла5а.

Добавить комментарий