Кэпсээ
Войти Регистрация

Күлүмүрдэс күннээх эдэр саас

Главная / Кэпсээ / Күлүмүрдэс күннээх эдэр саас

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
02.11.2024 12:31
4k 0

An image to describe postАвтор: Арылы - 14 октября 2014 13:52

Тугу да гынарым суох буолан 3 сыллаа5ыта Дьокуускай куоракка буолбут олохпуттан биир тугэни суруйан Сахам сирин дьонугар сэьэргииргэ сананным. Сахабыт сирин самаан сайына сатыылаан турар куйаас куннэрэ. Дэлби утатан киоскаттан тымныы утах ылаары турдахпына кэннибэр бэрт биир эдэр кыыс саната, бытархай харчылааххыт дуо диэтэ. Эргийэн корбутум бэрт моку танастаах, сууммута5а ырааппыт батта5ын, кэтэ5эр туох эрэ орбох курдугунан туттарына сылдьар эдэр кыыс турар эбит. Сиэппиттн 5солк баарын ылан биэрдим. Бэйэм 3о5олоохпун олорбор ас ыларбар харчым кыоа онон бу 5солк биэрэбин баалаама диэнбыьааран эттим. Кыыьым кыбыстыбыттыы мичик гынна харчыны ытыьыгар ылаат, бэрт тургэнник элэс гынан хаалла. Ити кун улэбинэн эргийэн киэьэ улэ чааьын кэннэ дьиэбэр кэллим. Кэргэним дэриэбинэ5э от улэтигэр дьонугар комолоьосылдьар. Уолаттар уьуон а5аларынаан эбээлээхтэригэр барсыбыт буолан, со5отохпун. Быйыл ккыра уол оскуола5а барар буолан мин уоппускабын куьун ылыахтаахпын. Дьиэбэр кэлэн угэспинэн телевизор коро2 чэйдээтим. Ол олорон бугун уулусса5а корсубут кыыьым олох ойбуттэн тахсан биэрбэтэ. Таах уулусса5а сылдьар бомжтары кытта олороро дуу дьиэлээ5э дуу диэн араас санаалар ууйэ-хаайа тутан санаабыттан арахпатылар. Сарсыннытыгар били остановкам таьыгар кыыьы корсуом диэн сатыылаатым да, кини курдук киьини корсубэтим. Оннук хас да кун ааста, ол тузары кыыьым санаабыттан арахпат. Бэйэм да билбэппинэн били остановкабын кэлэрбэр-барарбар куруук сатыы сылдьар буоллум. Оробуллэргэ дэриэбинэ5э баран дьоммор комолоьон кэллим. Понедельник киэьэ улэбиттэн эрдэ бутэн дьиэм диэки баран иьэндьэ кыыьым ханнык эрэ эмиэ бэйэтин курдук дьону кытта кэпсэтэ, ааьан иьэр дьонтон харчы кордоьо туралларын корон олус долгуйдум, то5о эбитэ буоллар кини эмиэ миигин короот утары кэллэ. Уонна мэчээрдээбитинэн дорооболосто, ор да эьигини кууттум диэтэ. Мин испэр уордум да5аны ону биллэрбэт гына хайа, ол то5о диэн соьуйдум. Кыыьым кэпсиир били унур эн 3о5олорбун аьатарбар харчымкыра диэбитин дии, ону истэн баран мин тымныыуунан саба ыстарбыт курдук буолбутум диир. Дьон устуу о5ону иитэр, онтон мин биир о5обун кыайан о5олообокко хаалларан кэбиспитим диир. Хара5а ууланан ылар. Чэ уоскуй, миигин кытта барыс, ити чугас кафе5а киирэн чэйдиэххэ, онно сиьилии кэпсэтиэхпит диибин. Кыыьым тутасобулэьэн таьырдьа аьатардаах кафе5а кэлэн биир остуолу ылан ас сакаастаан олоробут. Кыыьым аата Сардаана диэн эбит. Хоту улуустан торуттээх. Ийэлээх эрэ улааппыт.( биллэр биричиинэнэн аатын уларыттым) Мин аатым Ангелина Павловна диэн. Син аьаан ол бу куннээ5ини кэпсэтэ туьэн баран Сардаанам кэпсээнин са5алаата.

Сардаана кыра эрдэ5иттэн ийэтэ иьэр-аьыыр буолан олус эрэйдэммит, оскуоланы бутэрбит сылыгар Дьокуускайга уорэнэ кэлбит, ол сылдьан харчыта суох буолан, улэ5э киирэн улэлии-улэлии уорэнэр эбит. Туунун ресторанна иьит сууйааччынан улэлиир, сарсыардатын нэьиилэ туран уорэ5эр барара. Ас-танас кырыымчык буолан ханна да сылдьыбакка улэ, уорэх буолан маннайгы курсун сааскы сессиятын кыайан саппакка уорэ5иттэн уьулла сыыспыт. Сайын дойдутугар барар харчыта суох буолан, улэ5э киирэн улэлии сылдьан биир куорат уолун корсон билсибиттэр. Урдук сололоох а5алаах куорат уола Сардаананы ыраастык, кыра о5олуу таптаан, киинэлэргэ сырытыннаран, ресторанна, кулуубтарга ыныран кыыс оло5ун сибэкки дьорботунэн киэргэтэн, олох кэрэтигэр, дьон-дьонно истин сыьыаныгар, алыптаах остуоруйа дойдутугар олорор курдук киэргэппитэ. Харчынан да, сылаас истин сыьыанынан да куруук комолоьоро, куус-комо, ойобул буолара. 2курсугар куьун сессиятын сабан, Стаьын комотунэн харчы онорон, угус предметтэрин автоматтаан дойдутугар Сана Дьыллыы бараары ата5а сири билбэт буола дьолломмута. Дойдутугар котор кунугэр Стас портка атаара туран, Сардаанатын синньигэс биилиттэн бэйэтигэр ыга кууьан туран, Сардаана сып-сырдык харахтарын, бэйэтин арылхай чох хара харахтарынан утары корон туран миэхэ кэргэн буол диэн кыыс эдэркээн сурэ5ин долгуппута. Кулумурдэс куннээх эдэр саас тапталы икки таптаьар сурэхтэргэ кулубурэйэ умайбыта. Сардаана дойдутугар тиийэн ийэтэ аьыы сылдьан илиитин улуппутун корон, хара5а харанаран ылбыта, ытыы сыьан сымыьа5ын быьа ытыран тураахтаабыта. Иьигэр хаьан да ити абааьы аьын аьыа суох буолбута. Стаьа кун аайы телефонунан кэпсэтэрэ, ахтарын, таптыырын этэрэ. Ыраах хоту улууска сибээс быстар молтох буолан дьиэ телефонунан кэпсэтэллэрэ. Онтуктара да сорох кун олох да арахсан хаалан эрэйдиирэ. Каникул кэннэ кэлэн уорэ5ин салгыы сылдьан ыарахан буолбутун билбитэ, уоруутуттэн тапталлаах до5орун уордээри уопсайыттан Стас олорор дьиэтин диэки сатыы тэбиммитэ. Дьиэтигэр чугаьаан иьэн Орджоникидзе болуоссатын таьынан корбутэ, кини таптала, эрэнэр эрэлэ, саамай чугас киьитэ сибэкки тутуурдаах, урдук хобулукка дугуммут нуучча кыыьын кытта массыына5а киирэн туох да буолбатах курдук элбэх массыына быыьыгар киирэн уулусса устун айанныы турбуттара. Сардаана хара5а харанаран ылбыта, хайдах уопсайыгар тиийбитин ойдообот. 3куннээх туун оронугар лип сытан эрэ табыллыбатах тапталын аьыйан хара5ын уутэ костубэт буолуор диэри ытаабыта. Телефонун симкатын арааран, Стас бэлэхтээбит бэлэхтэрин бутуннуу коробка дьааьыкка уган оронун анныгар кистии аспыта. Хаста да о5отун туьэттэрэ сатаан, бэйэтигэр тиийинэ сатаан эрэй бо5ону корбутэ.Хата уопсайга бииргэ олорор кыргыттара этэн-тыынан, субэ ама буолан о5отун туьэттэрбэккэ о5олоноот о5отун сирэйин да онойон корбокко ытаан-соноон роддомна хаалларбыта, арай кини о5ото кыыс буолбутун эрэ билэрэ. Онтон Стас? Кунун-ыйын тапталлаах до5орун сутэрэн, туохтан маннык уларыйа охсубутун ойдообокко, уопсайын таьыгар, уорэ5ин аттыгар манаан куннэри тууннэри куутэн туох да быьаары ылбакка, Сардаана уллэ кыыьырбыт сирэйинэн, киэр-бар икки харахпар костумэ диэн эппитин уонна сири буру аннынан Сардаана кыьын дойдутугар бара сылдьан о5о эрдэ5инээ5и до5орунаан хоонньоьон ыарахан буолан кэлбитин истэн, аьыы утахха умса туьэн дьиэтигэр ийэлээх, а5ата да икки кыра быраата да ахсааннаахтык корор буолбуттарыттан ийэ барахсан сурэ5э сэрэйэн а5аларын ууйэ-хаайа тутан уолларын а5атын билсиитинэн Алмазы Анабаара вахтавай улэ5э анатан атаараллар. Сардаана о5отун хаалларбыт аьыытын уйбакка арыгыга охтон, уорэ5иттэн ууруллэн тапталын сутэрэн олохтон кэлэйэн таах сылдьара уксээн 1сыл кэринэ мээнэ итинник сылдьаахтыыр эбит. Эдэр кыыс барахсан ыраа5ы тугу эрэ толкууйдуурдуу ааьар дьону коро олордо, ып-ыраас харахтарын уута сып-сырдык иэдэстэрин устун суурэ олороохтообута. Чаьыбын корбутум номнуо 23ч чугаьаабыт эбит этэ. Сардаана чап чараас саннытын ийэлии сылаастык имэрийэн баран, чэ кытаат сыллыы салгыы хайдах буоларгын толкуйдуохпут диэт тахсан сатыы дьиэм диэки барбытым. Дьиэбэр кэлэн бугунну истибит кэпсээммин истэн Сардаананы аьынан сымна5ас сыттыкпар хар5ым комускэ ууларын таммалатан ытамньыйан ыл ылтым, ол туун аанньа утуйбакка ороммор эргийэ-урбайа сыппытым.

Ол кунтэн хас да кун мин бэйэм да билбэппинэн, уруккуттан кыыс о5о5о ымсыырарым, Сардаанчыкпар сыьыаным сурэхпэр инмитэ, кинини саныырыырым, кыраны кыым да са5аны тугу эмэ комолоьон кини эрэйдээх буруйдаах оло5ун чэпчэтэр санааттан кордоон корбутум да кыыьым ууга тааьы бырахпыттыы мэлийбитэ. Сотору тыаттан дьонум от улэтин бутэрэн кэлбиттэрэ. О5олорум кэлэн аралдьыйан Сардаанчыкпын умна быьыытыйбытым. Биир оробул кун дьиэбин хомуйа сылдьан улахан уолум хоьугар араас хаьыаттар, кинигэлэр, тэтэрээттэр быыстарыгар баьаам элбэх хаартыскалар быыстарыгар биир мин хаьан эрэ, ханна эрэ корбут кэрэ куом уолбун кытта ыбылы куустуьан портка турар хаартыскаларын булан ылан айахпыттан санам сатаан тахсыбат буолан дойон олордум. Бу эдэр дьон мин улахан уолум Стас, хап хара чо5улуйбут харахтара толору дьолунан туолан уп-урун тиистэрэ мичилийэн турара уонна кини таьыгар сып-сырдыгынан унаарыччы корбут саха нарын намчы кысчаана Сардаана, Сардаанчыгым, Сардааначкам олохтон чахчы астыммыт дуоьуйбут, кулумурдэс куннээх эдэр саас тапталыттан толору дьоллонон тураллара. Салгыы умсугуйан хаартыскалары корутэлээтим бу Стас Сардаананы сиэтэн ледовайга ханкылыы сылдьаллар, бу Чочур Муранна до5отторунаан шашлыыкка сылдьаллар, бу Стас массыынатын Сардаана ыыта сылдьар, бу о5ом 23сааьын ылбыт кунэ Сардаана олус да кэрэ, батта5ын тоботун оройугар улахан боручуоскэ оностубут, бу Стас Сардананы виноградынан аьата олорор... онтон да элбэх араас учугэй бииртэн биир мин о5ом тапталын дьоллоох куннэрин туоьулуур хаартыскалара. Иччэлээ5и корон-билэн баран олоруом дуо? Соммун бурунэн Оржанкаттан а5ыйахта уктэнэн Туймаада остановка5а тиийдим, киьи наадыйда5ына били дьоммут мэлигирдэр, куьун чугаьаан дуу киьи а5ыйах, саатар ахдахтаах кун буолан оссо а5ыйаабыкка дылы буолбуттар. Мин кими да булан кэпсэппэккэ дьиэбэр кэллим. Стаска да, а5абытыгар да пока тугу да эппэккэ сананным. Киэьэ утуйуохпут а5ай иннинэ Стас кэлэн хоьугар киирдэ. Бука хаартыскаларын корбуппун собулээбэтэ буолуо дии санаатым, сэрэйбитим курдук уолум сотору со5ус тыастаахтык уктэнэн биьиги хоспут диэки кэллэ уонна аан нонуо: маама, хоспун эн хомуйдун дуо диэтэ мин утары тахсан биллэ холуочук уолбун уоскутардыы мин хомуйдум онно туох баар диибин. Ити хаартыскалары барытын суох онороор ити куулэй уонна арыгыьыт кыыс миэхэ наадата суох диэтэ. Мин сурэ5им иьигэр илдьэ сылдьар быыкаайык сиэн кыыьым дьыл5ата бу икки эдэр дьон олоххо бэлэмэ суохтарыттан, кинилэр бэйэ-бэйэлэрин ситэри ойдоспотохторуттэн уонна бэйэ-бэйэлэрин итэ5эйсибэт буолбуттарыттат, эппиэтинэьэ суохтарыттан олус абатыйдарбын да5аны уолбун саба санардым. Стас, эн бэйэн эмиэ кэнники кэмнэ аьыыр-сиир буолан эрэ5ин, тохтуон этэ диэт. Кэпсэтии буппутун биллэрэн хоспор киирэн хааллым. А5ыйах кун мин Сардааны кордоотум да булбатым, биирдэ Туймаада5а биир киьиэхэ чугаьаан ыйыталастым Сардаана туьунан киьим улаханы быьаарбата, арай ыарытыйар диэбиттэрэ ыалдьа сытара буолуо диэтэ. Хас да хонон баран биир саха дьахтара Сардаана ыалдьан балыьа5а сытарын эттэ. Ханнык балыьа5а, ханна баарын чуоккай ким да билбэт. Саха дьахтарыгар 500руб биэрбиппэр баьыыба, махтал бо5о буолан хаалла. Кимтэн хантан ыйыталаьарбын билбэт буолан Стаска хоьугар киирэн ба5ар Сардаана туьунан туох эмэ баара буолуо диэн кордуу сатаатым да тугу да булбатым.

Киэьэ уолум кэлэригэр соруйан хоьугар киирэн хаартыскаларын бэрийэ олордум. Стас киирэн баран ойдообото быьылаах, саната суох корон турда. Онтон мин кэрэ да кыыс эбит, ким диэний, хантан сылдьарый диэтим. Хата уолум соьуйуом иьин аьа5ас ба5айытык кэпсээн барда, быыьыгар атын уолтан ыарахан буолбутун ол иьин арахсыбыттарын, кини билигин да оссо да Сардаанчыгын тапьыырын эттэ. Мин кыыс толору аатын билэн уоскуйан, уорэн котон хоспор утуйа киирдим. О5олорбор Сарданчиктаах, Стасикпар, кырачаан сиэн кыыспар хайаан да олох дьолун тоннорор сыал сорук туруоруннум. Билэр билбэт дьоммуттан сураьан Сардана мунурдаа5ынан республиканскай балыьа5а сытарын булан ыллым. Уоруу-котуу кэпсэтии бо5о буоллубут, уруккутун санаппакка инникигэ сырдыкка, итэ5эйэрбитин кэпсэттибит. Кыыс ханнык роддомна о5оломмутун биллим. Сотору 45сааспын туоларым онно остуол тэрийэрбэр комолоьор киьим суо5ун эттим, Сардаанчыгым мин уулуссаттан булбут кыысчааным комолоьорго уоруунэн собулэстэ. Хата балыьа5а сытар буолан сирэйэ-хара5а сэргэх, уулусса5а арыгы иьэ сылдьарын курдук буолуо дуо? Былааннаан былааннаан ресторанна ылар буоллум торообут куммун. Стаьы кытта 2до5орун ынырдым, соруйан хойутаабатын игин диэн. А5абыт соьуйбут курдук корор, бу хайдах буолан торообут кун дии2 оро мохсор диир быьылаах. Сардаанчыкпын аралдьытан менюну эн сакаастаа диэн кордоспутэ буоллум, салонна сырыттыбыт, комо харчы, хамнас диэн биэрдим кыыьым ылымаары гыммытын оччо5о баран танаста коруох диэтим хата собулэн баран платбе, полусапожка ыллыбыт. Кыыьым уорэн ата5а сири билбэт буола сылдьар, сурдээ5ин сэргэхсийдэ. Торообут кунум буолар кунугэр эрдэ туран роддомна бара сырыттым, заведующайы корсон кэпсэттим. Сиэммин хата ким да иитэ ылбатах эбит, о5о дьиэтигэр биэрбиттэр. О5о дьиэтигэр тиийэн ыйыталастым ким да билбэппит, информация биэрэр бырааппыт суох диэн чугаьаппатахтарыттан санаам туьэн дьиэбэр кэлэн хомунан бардым. Сарданчыкпар эрийэ сырыттым, оносто сылдьабын диэбититтэн уордум. Стас эмиэ сургэтэ кото5уллэн а5ай сылдьар. О5ом дьолун эрэ муччу туппатар диэн испэр кордоьо сырыттым. 5ч са5ана ресторанна тиийдибит, барыта бэлэм ыалдьыттарым да кэлитэлээбиттэр, Стас 2до5орунаан а5абытын кытта кэллилэр. Остуолга олордубут, бэйэбит туспа вип сааланы ылан олоробут, арай Сардаанчыгым суох оо бу кыыс эмиэ иьэн аьаан кэбистэ5э дуу дии саныы олордохпуна сибэкки дьорботун тутан курбуу курдук быьыытыгар кылгас былааччыйаны кэппитинэн Сардаанчыгым уп убун кыламаннардаах харахтарына унаарыччы корон сандаарыйан киирэн кэллэ. Стас олорлр сириттэн сулбу ойон турда, миигин Сардаананы утуу-субуу корутэлээтэ, Сардаана эмиэ ойдооботох курдук миигин ыйыппыт харазтарынан корон турда. Мин туох да буолбатах курдук туттан туран Сардаананы остуолга ынырдым. Бэйэм таспар олортум. Бырааьынньык са5аланна. Э5эрдэ, бэлэхтэр, ырыа-тойук, ункуу-битии бо5о буолла. Хара5ым кырыытынан корон олоробун Сардаана да, Стас да хайалара да арыгы испэттэр. Мин ийэ киьи сурэ5им онтон эрэ уорэр. А5абыт бэлэ5э Байбал Сэмэнэп мин собулуур ырыаьытым э5эрдэлии кэлбитигэр, дьон бары бытаан ункуугэ эргийэн бардылар, мин Мишабынаан эмиэ ункуулээн эргийдибит, таспытыгар Сарданчыктаах Стаьым кулумурдэс куннээх эдэр саас уоттаах тапталыгар уйдаран ункуулээн эргийэн эрэллэр этэ. Онтон киэьэ мин Сьаьы да, кини 2до5отторун да, Сардаананы да корбото5ум... Арай сарсыарда Стас хоьуттан бэрт улахан Стасик рубашкатын кэппит мин Сардаанчыгым тахсан уу-хаар баспыт харахтарынан: Ангелина Павловна, арай эн миигин булбатах буол, арай эн миигин чугаьаппатах, сэнээбит буол мин хайдах буолуом этэй диэн чараас санна титирэстээн о5олуу аьа5астык ытыы2 махтана турар этэ мин Сардаанам, Сардаанчыгым, Сардааначкам, мин о5ом таптала, мин кийиитим. Арай мин Мишам тугу да ойдооботохтуу соьуйан корон турара, ол икки ардыгар кыра о5олуу уорбут мин кэтит сарыннаах уолчааным ваннаттан ойон кэлэн миигин кото5он баран эргичиннэппитэ, мин маамам саамай эдэр уонна саамай муударай дии2 оро уьуутаабыта, сыллаамахтаан ылбыта. Кыра уолаттар эргийэ сылдьан Сардаананы корбуттэрэ куукуна5а туох буолбутун ойдообокко, уоруу, таптал, эрэл, махтал, дьол долгунугар олорсон орутэ ыстана2 илиилэринэн таьыммыттара. Бары уоскуйан чэйдээбиппит. О5олор 1ыйынан саахсаламмыттара, 2ыйынан о5о дьиэтиттэн кыыстарын булан топтору ылбыттара. Мин ааппынан Ангелина диэн ааттаабыттара. Билигин Сардаансыгым студентка, Стас улэлиир, бары толору дьоллоохпут. Сахам сирин дьоно бука диэн ситэри билбэккэ эрэ тапталгытын сиргэ-буорга тэпсимэн. Аналлаахтаргытын харыстаан, оруу дьоллоох буолун!!!

Били Стас атын нуучча кыыьын кытта сылдьарын Сардаана корбутэ, ол одноклассница кыыьынаан учууталларын юбилейыгар э5эрдэлии баран иьэллэрин корбут этэ. Онон итинник тугэннэргэ эдэр дьон бэйэ5ит вывод онорбокко эрэ, кытаатан быьаарса, толкуйдуу сатаан.

Добавить комментарий