Главная / Кэпсээ / Угаайыга киирии
Добавить комментарий
Автор: Кыраһа суруга - 22 июня 2019 23:30
Сардаана күн аайы овощной киоскаҕа күн аайы ас атыылаһа киирэр. Кинини онно өрүү биир таджик уола куруук үөрэ-көтө, комплимент бөҕөтүн этэ көрсөр. – Ах, какой красавица, мой сердце принатлежить вамь, прикрасная девуска. Ол аайы саас ортолоох дьахтар санаата көтөҕүллэр, үөрэр. Эдэр сүүрбэччэтин эрэ ааспыт уол кинини астына көрөрүттэн. Сардаана эриттэн арахсыбыта уонча сыл буолла. Икки хороччу улаатан эрэр уолаттардаах. Сэттис уонна ахсыс кылаастар. Ол иһин да буолуо, эр дьон уолаттардаах дьахталлартан куттаналлар дииллэрэ арааската сөп быһыылаах...Ким да бу сыллар тухары бииргэ ыал буолуох диэн тыл көтөхпөтө. Син билсэн, саҥа кэпсэтэн иһэннэр сүтэн баран хаалаллар. Аны сорохтор иһэллэрэ бэрт, һуу айа арыгыһыты кытта аны олоруллубат. Биир Баанньа сөп оҥорбута. Идэтинэн чааһынай биригээдэҕэ сварщик этэ, илиитигэр, идэтигэр чахчы талааннаах уһулуччу сварщик этэ, ол эрээри хамнаһын ылаат тута иһэн кэбиһэрэ, хастыы да күн сүтэрэ... Бүгүн киэһэ дьиэтигэр киирбитэ арай ваннаҕа кыраана тэһэ барбыт сүүрдэ ахан турар. Соҕотох ийэ буолан бу таах сүүрэ турар уу хас биирдии хааппылата кини хамнаһыттан харчы ааҕа турарын өйдүүр. Онон ыксаата. Аны сотору оҕолоро оскуолатттан кэлиэхтээхтэр ас ылыан наада. Дьиэтин таһынааҕы били овощной киоскаттан тахсан хортуоппуй ылыыһы, оҕолоругар помидор, оҕурсу, бэйи саас дии, уолаттара саамай улаатан эрэр кэмнэрэ, уонна дьыл уларыйа сылдьар кэмэ буолан организимнара кыратык сылаабайдаан сылдьар.
Куолутунан киирээтин кытта омук уола эмиэ күлүм-мичик аллайда – Вай, мой красавиц, что слючилось? Мошет чьем нибуть памочь? Сардаана ас атыылаһарын быыһыгар күннээҕи кыһалҕатын, дьиэтигэр кыраана тэстэн сүүрдэ турарын кэпсэээтэ – Может у тебя есть какой нибудь знакомый сантехник, спросишь у своих? – диэн продавец уолтан ыйытта.
Инньэ гынан Ахмеды (оннук аатттах эбит омук), киэһэ аны дьиэтигэр ыҥырар буолла. Оо, ыаллара, оҕолоро туох дии саныыллар? Чэ буоллун үлэлии кэлэр киһи буоллаҕа, мин дьээдьэм да эрим да буолбатах. Киэһэ Ахмед кэлэн кыраанын түргэн баҕайытык оҥордо, онно эбии өссө ваннайга аҕыйах плитка хоҥнон түһээри туралларын көрөн, балконтан раствор киллэрэн, өссө күүскэ силимнээн биэрдэ. Сардаана үөрэн хайдах гынан булбата, бу эдэр, кыраһыабай омук оҕото барытын почти босхону үрдүнэн оҥорон барда. Бу үөрүүнү, көр эрэ! Биэс мөһөөҕү таһынан өссө эбии биэрээри гыммытын Ахмед ылбата, Аллах көҥүллээбэт диэтэ. Хаһаайка омугу остуолга ыҥырда, чэй кутта. Бу күнтэн ыла Ахмед Сардаана дьиэтигэр олох орох тэптэ. Сотору-сотору сибэккилээх, сакалааттаах кэлэр, кыра көмүс оҕото бэлэхтиир, минньигэс таптал тылларынан Сардаана сүрэҕин уулларар. Хаста да Сардаанаҕа Амматан аймахтара кэлэн ыалдьыттаан барбыттара, ким да кыыстарын дьиэтигэр омук киирэн көҥүл айбардыы сылдьарын сөбүлээбэтилэр.
Устунан бииргэ олорон бардылар. Ахмед дьиэҕэ кэлэн хонон эрэ барар, онтон атын бириэмэҕэ ханна сылдьарын айбыт таҥарата бэйэтэ эрэ билэр. Түүннэри-күннэри омуктары кытта суксуруһуу. Тугу эрэ куодараһаллар, кэлэллэр-бараллар, мечеттэригэр мустан тугу эрэ үҥэллэр. Дьахтар устунан ыарахан буолбутун биллэ. Ахмед ону истэн үөрүү бөҕө – Мой дочь пудеть малинькая васточьная принцесс, мы все вмьестье уетьем в Таджикистон путем тьам шить. Киһитэ оҕону кинини кытта тэҥҥэ күүтэриттэн дьахтар эмиэ да үөрэр, киһитэ барыларын ханнык эрэ ыраах Таджикистоҥҥа илдьэ барыам диир саҥатын тириитин таһынан аһардар. Билсибиттэрэ нөҥүө сылыгар Сардаана этэҥҥэ отут аҕыс сааһыгар быыкайкаан кыраһыабай бэйэлээх омук булкаастаах кыыс оҕону төрөтөр. Аҕалара Фатима диэн ааттыыр. Ону кытта автоматически Ахмед российскай гражданствоҕа документ хомуйсан барар. Официально холбоһон олоруох диэн дьахтары үүйэр-хаайар. – Я тепя луплю, польше всьего на свьите, не моку пис типя, тафай пошенимьсья – диэн күн аайы кэйиэлии кэп да кэп буолар. Дьахтар барахсан сүрэҕэ чараас. Начаас ээҕин этэн, биирдэ өйдөөбүтэ ЗАГС ка Ахмедтыын тураллар эбит. Марш Мендельсона оонньуур. Тула эмиэ атын эдэр пааралар ыалдьыт, аймах бөҕө. Оттон кинилэр иккиэлэр эрэ, уонна аҕыйах свидетель курдук Ахмед гастарбайтер атастара кэлэн тураллар. Сардаана аймахтара истэ да барбатахтара, киэр хайыспыттара, аҕата аны мин кыыһым суох, аҕалааххын умун диэн илдьиттээбит сурахтааҕа. Ийэтэ барахсан үйэтин тухары эрин тылыттан тахсыбатаҕа. Оҕонньор тугу эттэ да сокуон. Бэл үнүр саамай чугас дьүөгэтин Мирочканы көрдөһө сатаабытын биирэ хайдах да буоллумматаҕа – Ээйиис доҕор, аны билэр дьонум көрөннөр сыыһа өйдүөхтэрэ омуктары кытта сылдьар диэн, дружба дружбой Сардаана, но жизненные принципы врозь – диэбитэ. Чэ, туох буолуой Сардаана бүгүн саамай дьоллоох, таптыыр киһитигэр сокуонунан холбоһон кэргэн тахсан эрэр. Ахмед кинини эмиэ таптыыр. Төһөлөөх элбэх дьүөгэтэ арахсан соҕотох сылдьалларый, оттон киниэхэ дьоллоох билиэт түбэстэ эбээт, кинини эдэр кыраһыабай, Индия актера Митхун Чакраборти курдук омук уола таптаата. Таджиктар көрдөххө эрэ кыралар, хачаайылар, кирдээхтэр оттон ханнык баҕар провинциалы ылан сууйан-тараан, таҥыннаран, прическалаан биэрдэххэ кыракый да буоллар Митхун Чакраборти илэ бэйэтинэн буолар! – Наплевать на мнение окружающих, главное мы с Ахмедом любим друг друга остальное неважно – дии санаата. Саҥа ыал буолбут дьон биллэн турар үһүс оҕонон материнскай капиталга тигистилэр. Мөлүйүөн аҥаара кэриэтэ суумма. Маны хайдах туһаныаҕын өйүн тобула сырыттаҕына Ахмеда хата өй укта – Слющай, Сьардаань у миня исть харошая итея. Тафай купьим мине машьин. Я путу тьаксовать. Веть так телают ше. Вьот мой прать тьоше с шеной купьили на маткапь ему машин. Инньэ гынан Ахмед биир үтүө күн массыналанан хаалла. Сүтэрэ өссө элбээтэ. Сороҕор дьиэҕэ хастыы да күн кэлбэт. Кэпсииринэн тойотторо саҥа тутуу объега ылбыттар онно түүннэри-күнүстэри хоно сытан ньиргиччи үлэ үһү. Харчы бөҕө аахсаары сылдьар үһү. Аны өссө биир идеялааҕын эттэ. Бииргэ төрөөбүт быраата Мухаммед Камаз массыына ылыахха, буор таһыытынан дьарыктаныахха диэн чаҕылхай өй укпут. Ол эрээри биир күчүмэҕэй, кинилэр гастарбайтердар кинилэргэ биир да баан кредит биэрбэт. Ахмед сотору кэминэн гражданство да ыллаҕына син биир ылар кыаҕа суох. Оттон Сардаан бастайааннай үлэлээх, кини ылыан сөп. Аны Ахмед түүннэри-күннэри Сардаананы бэйэн ааккар кредиттэ ыл, миэхэ уонна быраапар манипулятор атыылаһан биэр диэн күөйдэ-хаайда. Сотору улахан объект бүтүөхтээх тута ол кэнниттэн 500 тыыһынчаны уу харчынан Сардаанаҕа ууран биэриэх буоллулар. Таптыыр киһиҥ туһугар тугу оҥорботоҕун баарай, Сардаана сбербаҥҥа тиийэн бэйэтин аатыгар 500 000 кредит ылла. Ахмед быраатынаан тута манипулятордана түстүлэр. Ону да Ахмед биирдэ эмит дэҥҥэ сүүрдэр, Сардаана көрдөҕүнэ туох да аата-ахсаана суох элбэх бырааттара-убайдара бары, биир маарыннаһар бар бытык дьон ол массыынаны түүннэри-күнүстэри уларсан ылан сүүрдэллэр. Уопсай ОСАГО без ограничений страховка оҥотторон баран. – Ахмед, а где же деньги с манипулятора ? – диэн ыйыттаҕына. – Оо, вьай, вьай мьильая мой люпимьая нас китают плехьие люти, нету тенек, ньетю, нас муного-муного опманывають – диэн төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ сууланар Ахмед. Оттон Сардаана ый аайы быыкаайык оҕо пособиетыттан уонна ийэтэ барахсан пенсиятын сыыһын ыытарыттан баһаам элбэх кредиты төлүүр. Санаатыгар күүтэр, Ахмед хайаан да өрүттүө, бизнеһа сайдыа, кини да халлааныгар күн тыгыа... Хас да күн Ахмед кэлбэтэ, эмиэ сүттэ. Телефона арахса сылдьар. Сардаана айманыы бөҕөтүн айманна. Полицияҕа тиийэн сайабылыанньа суруйаары гыммытыгар полициялар күлүү гынан ыыттылар – Дойдулаатаҕа дии эрин, биһиги омук дьонун көрдөөбөппүт, омук полицията бэйэтэ кэлэн көрдөөтүн киһилэрин – диэн дежурнай чаастан хас сырыы аайы төттөрү ыыталлар. Арай биирдэ Сардаана дьиэтин сууйа сылдьан диван анныттан бүк тутуллубут кумааҕы булла. Сурук эбит. Ахмед суруйан хааларбыт. Кини манна кэпсээбит Сардаана хайдах курдук акаарытын, кини бэйэтин дойдутугар былыр үйэҕэ күүтэр кэргэн тахсаары сылдьар кыыһынан сылдьар кыыстааҕын, бу сыллар тухары өлөрбүт харчытын барытын дьонугар ыытан халыымҥа муспутун, Россия загсата диэн мусульманнарга таах бөххө быраҕыллар туох да суолтата суох кумааҕы буоларын сэтэрээн, күлүү гынан туран ыйбыт, дьиҥнээх сыбаайба кинилэргэ – никях диэн мусульманскай уруу буоларын кэпсээбит. Бүтэһигэр – Какая ше ты тура Сардань – диэбит – Ты тумаешь я тепя полюпил? Ты ше старух, а я молотой. Живи счатливо, пока! – диэн өссө баҕайын суруйардаах хаалбыт. Сардаана мэйиитэ эргийэн, сэниэтэ эстэн сиргэ – Лах! – гынан олоро түстэ. Бүттэ сир үрдүнээҕи буолбакка, ырай таптала олоҕо, бырахта кинини тапталлаах Митхун Чакрабортита... Арай өйдүү-саныы сылдьарыгар мөлүйүөн аҥаара кредит хаалла уонна кыраһыабай оҕо...Өйүгэр былыр эбэтэ барахсан тыыннааҕар эппит тыллара бу баардыы эргилиннилэр – Баҕа баҕатыгар, чоху чохутугар. Кэлин өйдөөтө Сардаана олоҕор улаханнык сыыспытын, албыннапытын, кэтэх санаалаах угаайыга киирэн биэрбитин...