Главная / Кэпсээннэр / 🌿 БУЛТУУ СЫЛДЬАН.🌿
Добавить комментарий
Михаил Доҕордуурап.
Кэпсээн.
1923 сыллаахха сааһым уон алтам этэ. Ол дьыл күһүн,от - мас хагдарыйан - күрэҥсийэн эрдэҕинэ,үрэх баһыгар бултуу таҕыстыбыт. Мин бултаһа тахсар киһим партизан Ньукуус диэн,сымсаҕайынан,куттаҕаһа суоҕунан улахан эрэллээх киһи. Ньукуус партизанныы сылдьан сэттэ бандьыыты саба сүүрэн киирэн,соҕотохтуу туппуттаах. Часкыйа түһэн баран,үрдүгэр түспүт тыа сырҕан эһэтин кытта быһаҕынан киирсибиттээх. Кини эр санаалааҕа,куттаҕаһа суоҕа кэпсээҥҥэ сылдьар киһи. Нуотара салаата үрэххэ тиийэммит ыала - күөһэ суох,туох да тыас - уус иһиллибэт,тэҥкэ мастардаах,адаархай хойуу үүнээйилээх сис ортотугар таҕыстыбыт. Тыал тыаһа эрэ куугунаан иһиллэр,суол - иис букатын суох,ханнык эрэ ыллык устун баран истэххэ өр буола - буола эркээйилэр көстөллөр." Хара суор хааҕырҕаан ааһар сирэ диэн бу буоллаҕа" дии санаатым. Түҥ курдук хараҥа ойуур эҥээригэр булчуттар олоро сылдьыбыт үүтээннэрэ баарыгар тохтоотубут. Үүтээммититтэн тэйиччи соҕус харах саҕа тыымпы кылайа сытарыттан уу ыллыбыт уонна ол тыымпы кытыытыгар аппытын аһаттыбыт. Бу дойдуга хара маҥнайгы күммүтүттэн табыллыбатыбыт. Аппыт сүтэн,мин ону көрдүүр дьарыктанным. Киһим үрэхтэр төбөлөрүн өҥөйтөлөөн,булт суолун хайан көрө барда. Мин саабын ыллым,киһим сүбэтинэн биир кырбас эти суулаан хоонньубар угуннум уонна аппын балачча тэйиччиннэн көрдүүр санааннан бардым. Үүтээммиттэн тус хоту араас сис маардарын,аппа болбукталарын үлтү кэһитэлээн туораталаатым. Ол баран иһэммин быһыттаҕас сыырдардаах үрүйэ аҥхалаатыгар киирдим,ото - маһа үмүрүччү үүнэн киирбит,ол иһигэр үгүс тииттэр үрүйэ диэки сэҥнэспиттэр сыгынахтара араастаан арбаһан - сарбаһан тураллар. Эһэ - бөрө ыстанан тахсыах курдугуттан дьиксинэ - дьиксинэ бу куолаҕай устун баран истим. Бу үрүйэнэн санаабар туох эрэ сылдьыбыт курдук,кыыл оту кэспитин эттэҕим буолуо,от - мас төбөтө кумаламмыкка дылы этэ. Арай көрө түспүтүм,үрүйэ аҥхалаатын быстаҕаһыгар хап - хара буруо төлөннүрэр. Аттыгар отуу турар. Маҥнай дьик гынан баран,кэлин булчуттар буоллахтара диэн,ханыыларбын булбут киһи быһыытынан эгди буоллум. Отуу диэки тиэтэйэ соҕус хаамтым. Чугаһаан истэхпинэ үрүйэ хаҥас ортотугар эмискэ киһи саҥата тохтоо диэн дэлби ыстанна.
Мас тыаһа тоһуттан бачыгыраата. Мин сүрдээхтик соһуйдум,"һук" диэн баран,ойоҕолуу эргиллэ түстүм. Арай онно көрбүтүм,түөһүгэр кили - килэччи ботуруон иилиммит,илиитигэр сыгынньах быһахтаах,курбуу курдук үрүҥ кубаҕай,киһи бокуойа суох миэхэ ойон кэллэ. Саабын ылыах курдук харбыалаһан эрдэхпинэ киһим тиийэн кэллэ да,санныбыттан саабын,быатын быһа тардан ылла. Онтон курбун төлүтэ тыытан эрдэҕинэ,отуу иһиттэн пистолетын мин диэки чочоччу туппутунан суон баҕайы киһи бөскөрүс гына ойон таҕыста уонна,"хамсаама!"дии - дии,сиэмэх эһэ курдук сабырыйан тиийэн кэллэ. Мин кутталбыттан уҥуоҕум уу испит сылгы курдук халыгырыы мөхсө турдум. Курбун төлө тарпыттарыгар бии мааҕын уктубут биир кырбас этим төкүнүс гына сиргэ түстэ. Пистолеттаах киһи,бөрө кыылга түһэрин курдук,түргэн үлүгэрдик сулбу тардан ылла да,аҥарын кэриҥин иҥсэлээх баҕайытык биирдэ уобан быһа хадьырыйан ылан баран,мин диэки тобулу көрөн туран,хара бытыктара өрө көбүөхтээн,ыстаан ыллаҥнатта. Быһахтаах үрүҥ кубаҕай киһи буоллаҕына миигин дьэҥдьийэн бүтэрэн,туох да суоҕун биллэ быһыылаах,доҕоруттан этин тобоҕун хаҥас илиитин таһынан эһэ охсон ылла. Аны кини сиэн уҥуох - тирии буолбут сирэйин тириитэ чаччырыҥнаата. Пистолеттаах киһи сирэйэ ыдьырыс гына түһэн,хааһын сабыһыннары туттан баран,миэхэ ыкса кэлэн туран:
Бандьыыт мин киһим сирэйэ - хараҕа сытыытыттан,туттара - хаптара дьапсаанатыттан дьулайан сэрэнэр быһыылаах,саатын бэлэмник илиитигэр илдьэ сылдьар. Бандьыыт миигин үүтээҥҥэ үүрэн киллэрдэ. Чаанньыкка сойбут уу баарыттан кэтитэлээтэ уонна олордубут. Мин киһибиттэн хаалан олус ыксаатым,аны киһим кэлиэ суоҕа диэн санаатым. Ол олордохпутуна арай эмискэ таһырдьа киһи саҥата:
Мин ити тылы истээт,этим "дьар" гына түстэ. Отууга хаалбыт бандьыыт дьулаан дьүһүнэ бу баар курдук харахпар элэҥнээн көһүннэ.
КУЙААР КИЭҤ ЭЙГЭТИГЭР ТАҺААРДА ВЛАЛИЛЕН.
Б Ү Т Т Э.
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿