Главная / Кэпсээ / Ыал эстиитэ
Добавить комментарий
Автор: о5о хара5ынан - 1 марта 2014 03:26
Биьиги 80-с сылларга, тыаттан улуус центрыгар коьон киирбиппит, а5абыт атын тэрэлтэ5э коьоруллэн. Икки квартиралаах уопсай дьиэ биэрбит этилэр. Мин оччолорго 2 кл, уорэнэр о5обун, эдьиийим 4 кл, уорэнэр. Соседтарбыт эмие икки о5олоохтор эбит, 3, 4 кл, уорэнэр кыргыттардаахтар, ийэлэрэ, а5алара баар уонна эьээлэхтэр этэ. Биьиги тургэнник о5олор о5олор курдук уопсай тыл булсан бииргэ оонньуур буолбуппут. Мин тоьо да уол о5о буолларбын билбэт сирим буолан эдьиийбиттэн арахпаппын. Оонньурбутугар куруук миигин о5олоро гыналлар мин очоспоппун, очотторботтор да5аны, кырам бэт, кыргыттарга тэннээтэххэ. Ыалбыт ыраас ба5айылар, дьиэлэрин иьэ сырдыга диэн, ас толору. Дьонмут хойукка дылы улэлиир буоланнар биьиги кинилэргэ аьыыбыт, оонньуубут. А5алара биир хоьу, телевизор, радио игин онорор, ремоннуур хос гынан олорор. Мин саамай собулуур хоьум ол этэ, уонна гарааьа, онно мопед, мотоцикл, массыына онно эмиэ ремоннуур этэ. Ол быыьыгар тэрэлтэтигэр холуоьа диэн ааттыыр катерга улэлиир, сайын онон орус устун хатааьылатар. Хаьан да биир сиргэ олорбот, сыппат пастайаанна улэлии сылдьар.
ийэлэрэ сырдык хааннаах эдэрдини чуочэ быьылаах этэ,билигин санаатахха.
Улэлээбэт быьыылаах этэ, дьиэ5э куруук баар буолааччы, вышевкалаан тахсар быьылаа5а, сыттык буруоьунэ, туннук сабыытын игин баайбытын кыргыттар, мамабыт онорто диэн кордорооччулэр. Эьээлэрэ сторожтуур, киэьэ ыьыктанан барааччы, утуйар улэлээхпин диэн. Дьиэтигэр маьынан уьанар этэ, ыалларга туннук игин стаменын онорооччу.
Биирдэ киирэрбитигэр ийэлэрэ суох этэ. Кыргыттар мамабыт балыаьа5а кииртэ, ыалдьыбыт, диэбиттэрэ. Биьиги ийэбит эмиэ балыаьа5а киирэн арыт сытан тахсааччы онон аахайбатахпыт, тута умнан кээспиппит. Эьэлэрэ эрэ баара (эьээлэрэ, а5аларын а5ата) аьылык буьаран иэьэлик балыаьа5а бардым, барса5ыт дуо? Диэн ыйыппытын сиэн кыргыттара, биьи буолан оонньуу сылдьар буолан, бары сарсын барса сылдьыахпыт, диэн хаалбыппыт бэйэбит. Балыаьабыт да чугас баар. Дьонмут кэлэн истиэнэни тонсуй буттарыгар, биьиги дьиэбитигэр тахсыбыппыт. Дьэбит икки квариралаах буолан оннук биллэрэллэр кэлбиттэрин. Биьиги дьиэбитигэр, аьаан сиэн баран эмиэ оонньуу тахсаары сээкэйбитин хомуна сырыттахпытына соседпыт киирэн аан таьыгар ийэбин кытта кэпсэтэ туьэн баран тахсыбыта. Биьи таьардьа тахсаары онустан эрдэхпитинэ ийэбит кэлэн, соседтарбыт ийэлэрэ олбутун эппитэ, дьиэ иьигэр улаханнык мэниктээмэн, таьардьа тахсыман, диэбитэ. Истиэнэни курдары мэниктиир тыаспыт иьиллиэ диэн буолуо. Ийэлэрин кистээбиттэрин инин кэннэ биирдэ дьэ кыргыттарбытыгар тахсыбыппыт. Улахан уларыйыы суох курдук этэ да били ийэлэрэ баайбыт ыттык сабыылара, туннук, телевизор сабыыта суох буолбут этэ. Дьиэ иьигэр табаах сыта уонна баар буолбут этэ. А5алара книгэ аа5а сытар, оронно, оннук сытарын биирдэ да корботох буолан тобобор хаалбыт быьыылаах. Эьээлэрэ суох этэ. Биьиги сана оонньоон эрдэхпитинэ ханнык эрэ дьон кэлбитигэр, а5алара туран биьигини, таьардьа тахсан оонньоон, ыраах, бэйдиэ бараайа5ыт, диэн таьаартаата. Куьуору сайын, сылаас кун. Оонньуур сирбит орус биэрэгэ.
Биьи хойукка дылы оонньообуппут. биьиги ийэбит кэлэн сылгылыар дылы.
Эдьиийим чараас курткатын соседпытыгар хаалларбытын мин кыргыттары кытта киирэсэн эдьиийим курткатын ылтым. Онно киирэрбитигэр дьиэ иьэ барыта табаах буруота уонна арыгы сыта. Остуол тула дьон бо5о олорор, бары итирик анаардахтар, айдаан бо5о. Кыргыттар а5алара урут ийэлэрэ олорор миэстэтигэр олорор, самовар аттыгар, хара5а кытаран хаалбыт, хуьа5ан ба5айытык ырбайан олорон муоста5а силлиир, дьоно кулэллэр ол аайы оссо эбии силлиир. Бу иннинэ арыгы иьэ олорорун да итирик сылдьрын да5аны коро илик буолан мин аан аттыгар туран корон турабын. Кыргыттар куртканы а5алан биэрбиттэригэр дьиэбэр тахсыбытым. Киирэн дьоммор кэпсээбитим. Маамам тахсан кыргыттары киллэртээбитэ, бары аьаабыппыт. Ол кунтэн соседпытын ойдоо5ун почти корбот буолтум. Кыргыттар постоянно биир кирдээх танаьынан сылдьар буолтара. Эьээлэрэ арыгы испэт этэ, гаражка сиэннэрин аьаталыыр, утуталыыр буолта. Дьон мустарын ууртэлии сатыыр, маьынан да кырбаталыыр этэ да симбиир мустар этилэр. 1 сентябрь иннинэ эьээлэрэ сурэ5э ыалдьан балыаьа5а киирбит этэ. Кыргыттар биьиэхэ олортор, олорторо буолан маамам кууьунэн киллэртээн аьаталыыр, утуталыыр. Гараьы хантан сатан оттуохтарай, туун тымныы, дьиэлэрин иьигэр араас итириксит барыта мустар. Биирдэ маамабытын кытта о5олор бары тахсан первай сентбрьга кэтэр танастарын кордуу, ыла тахсыбыппыт, а5алара оронно кураанах матрааска утуйа сытар, дьиэ муостата барыта буор, бадараан. Истиэнэ харанна онноммут, комод урдугэр ьиэккилэ, таас статуэткалар игин бо5о турта барыта ол бу кирдээх танаьынан ыьылла сытар, ьиэккилэ турбут да сирэ суох, муоста5а остуокулэ кыырпа5ынан туолбут, арааьа били таас статуэткалар кыырпахтара быьыылаах. О5олор танастарын, суумкаларын да булбатахтара. Онно манна били ремоннуур телевизордар, радиялара, магнитафоннара хос аайы ыьылла сытар. Кыргыттар хосторугар кки киьи эмиэ утуйа сытара. Тугу да булбакка тахсыбыппын, куьунну эрэ курткалара баар этэ.
Кыргыттара маамабыт танас, сумка игин ылан а5алта. 1 сентяб сарсыарда бары
Оскуолабытыгар бараары сырыттахпытына, биьиги маамабыт сибэкки букет ыалтан ылан а5алан биэтэлээбитэ, уонна дьэ бары тахсан баран эрдэхпитинэ 4 уорэнэр кыыс ытаан барта, олох унуох курдук буолта, балта ону корон эмиэ ытаабыта. Биьиги соьуйан, ыксаан бэйэбит эмиэ ытастыбыт. Паапам скорайга телефоннан скорай ынырта. Скорайы кэтэьэ топтору дьиэ5э киирбиппит. Кыыспыт ынчыктыыр эрэ уонна сытар, маамам аттыгар олорон уоскутар. Биьиги хоспутугар киирэн олоробут. Сана оскуола5а уорэниэхтээх буолан бэйэбит барбаппыт. Папабытын тэрэлтэтин массыыната кэлэн илдьэ барта. Хойут со5ус скорай кэлэн уколлан, таблетка игин хаалларан баран барта. Ол кун оскуолабытыгар барбатахпыт. Кэнники син курдук буолбут этэ папалара, кыргыттар оскуолаларыгар уорэнэр тилэр. Эьээлэрэ уксун короттоон олорор. Хаар игин туспутун кэннэ биир кун оскуолаттан кэлбиппит, дьоммут баар этилэр уонна икки милиция, оссо биир киьи тугу эрэ суруйа олорор этэ остуолга. Милициялар биьиги киирээппитин кытта тугу эрэ ыйвталаьаары гыммыттарн паапам санардыбата5а, кыра о5олор тугу билиэхтэрэй, диэн. Хоспутугар киирбиппит кэннэ маамабыт киирэн, сибигинэйэн, соседпыт 3 кл, уорэнэр кыыьа бу а5ыйах чаас иннинэ оскулаттан дьиэтигэр кэлэн иьэн болоруус рактор прыцыабын колуоьэтигэр киирэн биэрэн олбут диэбитэ.
Биьиги итини истэн соьуйбуппут ол да буоллар улаханна уурбатахпыт.
Дьиннээхтик улахан , кырдьа5ас эрэ дьон олор курдук сааныырбыт. Онтон кыыспыт балыаьа5а сыта туьэн баран тиллэн дьиэтигэр киэлиэ диэн саныыбыт, тоьо ор эрэ буолан баран кэлэрин билбэппит. Эдьиийэ биьиэхэ киирэн оонньуур, биьиги курдук кулэр уорэр, киэьэ тахсар. Икки кун буолан баран быьыылаах этэ, кыыспытын дьиэтигэр а5албыт этилэр, маамабытыттан истибиппит. Биьиги уорбуппут хата кэлбит эбит диэн. Сотору эдьиийэ кииртэ, олох кэпсэппэт, кулбэт да, диванна олорон арахсан турар телевизор диэкки корон олорон дирин ба5айытык уоьэ эрэ тыынар. Мин балтын то5о киирбэтэ ? диэн ыйыта сатыыбын да эппиэттээбэт. Маамам ону истэн ыныран ылан кулгахпын эрийэн туран , мээнэ то5о санара5ын! Диир, мин ытаары гынмыппын , батары корбутугэр ытаабатым. Уонна тугу да ыйыталаспатым син ойдоотум да ойбор баппат. Кыыспыт хайдах олортун курдук олорор, эдьиийим эмиэ саната суох ону маны гыммыта буола сылдьар. Аьылык буолла5ына эмиэ биьиги саната суох аьыыбыт, дьоммут эрэ кэпсэтэллэр, кыыьы араастан аралдьыта сатыыллар. Кыыспыт киэьэ дьэ син санарар, кыратык игин оонньуур буолта. Сарсыныгар биьигини оскуола5а ыытпатахтара. Соседпытыгар, массыына, дьон бо5ото мустар этэ, туннугунэн коробут. Сотору маамабыт киирэн биьигини илдьэ тахсыбыта. Киьи бо5о толору. Таьардь тыал , хаар бо5ото буолта. Дьэ иьигэр гробка кыыспыт сытар этэ, сырайа магмаган, мин кордохпунэ олох да атын. Арай батта5а эрэ майгынныыр, хойуу уьун хап хара батта5а, пластмас кукла курдук. Онтон гробу эргийбиппит, бары таьардьа тахсыбыппыт оссо тыал кууьурбут этэ. Оннук турдахпытына гробу таьааран грузовой массыына аттыгар икки табуретка урдугэр ууртара. Эмискэ тыал кууьурэригэр моойугар дылы буруллэ сытар простынята аьыллан тэлээрбитэ. Кыыс сайынны кылгас сиэхтээх платьялаах сытара, икки илиитэ хапхара уонна феолетвайдыны оннох этэ. Тургэнник топтору буруйбуттэрэ уонна массыына5а тиэйтэрэ. Массына барарыгар кыыспыт батта5а тыалга олох оро тэлибириир этэ онно дьэ ытаабытым, дьиннээх олуу баарын ойдоон быьыылаах.
туун тыал оссо кууьурбут быьыылаах этэ, провод куугунуура киьи ханна эрэ мунан
ытыырын курдук иьиллэр, дьэбит урдунээ5и сарайбыт пронтонун аана аьылла аьылла сабыллар тыаьа, соседпыт дьиэтигэр итирик дьон саната барыта буккуьан ынрык тоска курдук, бэйэм да кураанахсыйбыт курдукпун. Кыыьы саныы сытабын. Хайдах итинник чараас танаьынан маннык тымныыга, кистэнэн сытар диэн. Ойуурга ханна эрэ кистээбиттэрэ буолуо со5отохту дии саныыбын. Ол сытан утуйан хаалбыппын. Туулбэр соседка кыыспыт туун ойуурга со5ото5ун хаама сылдьар, батта5а тыалга тэлибириир, харааран бааьыран хаалбыт илиитинэн тонон икки саннын имэринэ сатыыр , тула отто барыта хаар, тыал, ойуур биир сиргэ тэспэннии сылдьар.. уьуктан кэлтим эдьиийм кэлэн миигин кытта сыта сатыы сылдьар эбит, со5ото5ун сатаан утуйбатым диэбитэ. Сарсыныгар оскуолабытыгар барарбытыгар соседка кыыспыт киирбэтэ5э, ону маамабыт, тыаттан кэлэ сылдьар аймахтара илдьэ бартара бэ5эьээ диэбитэ. Ол кунтэн ыла соседпыт олох тохтобула суох арыгылыыр буолта, охсуьуу, айдаан, милиция пастаяннай буолта. А5ата гаражка олорор. Биир кун соседпыт итирик киирэн а5ам хуьа5ан буолбут, сойбута ырааппыт быьыылаах, диэбитин, дьонум милиция, скорай ыныртара. Сурэ5э ыалдьан олбут диэн быьаарбыттар уьу. Сана дьыл иннинэ а5алара бэйэтэ дьиэтин куулэтигэр улуйэн олтун булбут этилэр. Бу барыта 4 эрэ ый иьигэр, биир ыал суох буолта. Ба5ар а5алара маамалара олтун кэннэ арыгыга охтубата5а буоллар атыннык дьыл5аныллыа этилэр. Улахан кыыстара тоботунэн ыалдьыбытын куоратынан игин эмтэтэ сатаабыттар да кыайан эмтэммэккэ , сыл курдугунан олбут эбит. Кэнники дьонум кэпсииринэн. Ийэм да эрдэ, социальнайдарынан игин сылдьан о5олору детдомна анаан, а5алара арыгы иьэр, эьээлэрэ ыарыьах кыаммат диэн араас кумаахы , онно манна киирэн биэрбит да эппиэтэ суох , хаалта диир этэ. Биьиги манна оссо икки сыл олорон баран атын улууска коьон барбыппыт. Эстибит ыал оннугар, татаар омук ыаллар биьигини кытта соседтаьан олорторо, биир эмиэ биьиги саастыы кыыстаах этилэр, сытыы ба5айы. Миигин быраатым диэн илдьэ сылдьаачы. Дьиэлэрин иьин таьын учугэй ба5айытк оностубуттара.
Олбут соседка кыыспын хойукка дылы туулбэр корор этим, биир кэм бастакы туулум курдук.