Корова
Гонят на бойню скотину.
Старая плачет корова.
Грубого просит детину:
– Что я наделала злого?
Летом со стадом ходила.
В зиму я сено жевала.
Сливками деток поила
И никого не бодала...
Мясо вам нужно –возьмите.
Только зачем вы кричите,
Гоните, палками бьете?...
Александр Ревенко
Биирдэ Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт, киһи кэрэмэһэ Старостин Анатолий Гаврилович-Сиэн Кынат тыа сирин олоҕун туһунан таах мээнэ сэлэһиигэ: «Ити миэхэ отутун да туолбакка сылдьан өлбүт, Александр Ревенко диэн нуучча талааннаах поэта «Корова» диэн бэрт кылгас эрээри сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох айымньыта баар ээ»- диэбитэ уонна ол хоһоон ис тутулун кэпсээбитэ, кэлин онтун миэхэ өссө куопуйалаан биэрбитэ.
1 июля 2016 22:33
БЭЭГЭЙ
Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх
Корова
Гонят на бойню скотину.
Старая плачет корова.
Грубого просит детину:
– Что я наделала злого?
Летом со стадом ходила.
В зиму я сено жевала.
Сливками деток поила
И никого не бодала...
Мясо вам нужно –возьмите.
Только зачем вы кричите,
Гоните, палками бьете?...
Александр Ревенко
Биирдэ Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт, киһи кэрэмэһэ Старостин Анатолий Гаврилович-Сиэн Кынат тыа сирин олоҕун туһунан таах мээнэ сэлэһиигэ: «Ити миэхэ отутун да туолбакка сылдьан өлбүт, Александр Ревенко диэн нуучча талааннаах поэта «Корова» диэн бэрт кылгас эрээри сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох айымньыта баар ээ»- диэбитэ уонна ол хоһоон ис тутулун кэпсээбитэ, кэлин онтун миэхэ өссө куопуйалаан биэрбитэ.
Мин ити хоһоону ааҕан бараммын, тус бэйэм оҕо сааспар буолбут биир куруук умнубат түгэммин өйдөөн кэлэммин, эмискэ санньыар санаа курус ахтылҕаныгар куустарбытым. Бээ, мин билигин итинтэн сиэттэрэн оҕо сааспыттан тугу өйдөөн хаалбыппын эһиэхэ адьас кылгастык кырдьыгынан быһа тардан кэпсиэхпин санаатым. Оттон эһиги ону бука диэн баалаамаҥ уонна тулуйан истиҥ дуу.
Биһиги кыра эрдэхпитинэ дэриэбинэҕэ биир соҕотох кырдьаҕас саха ынаҕа баара. Ол ынах эрэйдээҕи биһиги, мэлдьитин бииргэ батыаккалаһа сылдьар араа-бараа саастаах биир түөлбэ оҕолоро, тоҕо эбитэ буолла, туой көрдүбүт да санаабытыгар: «Бээгэй, Бээгэй...»,-диэн ыыстыы-ыыстыыбыт хаппыт буорунан тамныыр, ситэри баран — сырса сылдьан талаҕынан таһыйар, маһынан кырбыыр этибит. Ону бу кэлин кэлэн санаатахха, Бээгэй муҥнаах ол биһигиттэн сиэрэ суох атаҕастанан, үөҕүллэн-ыыстанан, үүрүллэн-үтүрүллэн кэтэх ыаллар кэлии боруода сүөһүлэриттэн ойуччу соҕотоҕун туран, эрэйдээх киһи курдук икки хараҕын уута иэдэһинэн сүүрэн ытыы тураахтыыр буолара...
Ол аайы биһиги, өйө суох акаары бэдиктэр, ааһан иһэн били ынах эрэйдээх ити ытыы турар дии-дии тарбахпытынан ыйа-ыйа бэлэспитинэн күлэрбит, айахпытын ата-ата алларастаһарбыт. Кэлин, арыый да улаатан, өйбүн тутан бараммын, ол дьаабыланарбытын саныы-саныы киэһэ аайы утуйаары сытан: «Бээгэй, бука диэн эн миигин, акаарыны, бырастыы гын...»,-диэммин, былыр үйэҕэ идэһэ буолбут төрүт сахам ынаҕыттан көрдөһөрүм-ааттаһарым, киһи буоллаҕым буолан, чахчы ис сүрэхпиттэн аһыйан-харыһыйан айманарым уонна суорҕаным иһигэр хараҕым уутунан суунарым...
...Бээгэй эрэйдээх бүгүн тиһэх күнэ буоларын сүрэҕинэн сэрэйбитэ. Иччитэ Биэрэ эмээхсин сарсыарда ааттаах эрдэ хотоҥҥо киирэн саамай маанылаах, сүөһүттэн эрэ сөбүлүүр уонна ордорор, хотон иһигэр аналлаах, кураанах сиргэ туруорар ынаҕын – ала-чуо Бээгэйин барахсаны кытары бырастыылаһа киирбитэ. Эмээхсин ынаҕын кууһан туран, куруутун буоларыныы эйэ-дэмнээхтик тэҥнээх киһилии кэпсэтэ-кэпсэтэ, сымнаҕастык имэрийэ-имэрийэ, будьурхай көп түүлээх сүүһүттэн, иэдэһиттэн уонна өрүү инчэҕэй муннуттан сыллыы-сыллыы таптаабыта, былаатын уһугунан хараҕын уутун сотто-сотто, бэйэтэ хайдах сатыырынан уонна билэринэн махтанар икки бырастыылаһар икки тылларын саҥара турбута. Оттон бу сырдык бороҥ өҥнөөх, ыраас хааннаах кырдьаҕас саха ынаҕа биһиги кыра эрдэхпитинэ нэһилиэкпитигэр мин билэрбинэн, оччолорго олохтоох сүөһүттэн суос-соҕотоҕун ордон сылдьар этэ. Сэбиэскэй былаас саҕана, ааспыт үйэ 50-с сылларыгар колхуостарга ССРС-ка хомуньуус баартыйа сийиэһэ уочараттаах уураах ылыммытын уонна ону олоххо киллэрии ухханыгар соҕурууттан бөдөҥ-садаҥ, биримээнэ уоннаах биэдэрэ саҕа синньилээх, улахан эмиийдээх, убаҕас эрээри элбэх үүттээх холмогор, симменталь боруода сүөһүлэринэн саха ынахтарын солбуйуу баччааҥҥа диэри үчүгэйэ-куһаҕана биллибэт хампаанньата барбыта. Онно тыа ыала үксэ баартыйа, итиэннэ, былаас күһэйиитинэн төрүт сүөһүлэрин көҕүспүт курдук экчи эспиттэрэ, уопсайдыын-кэтэхтиин бука бары бэрт суһаллык кэлии боруода эт-үүт ынахтаммыттара. Арай Бээгэй эрэйдээҕи иччитэ Биэрэ эмээхсин – ынаҕын таптыыра, аһыйара бэрт уонна тус бэйэтин бас билэр баайа буолан туруулаһан хаалларбыта. Киниэхэ да нэһилиэк бас-көс дьоно, баартыйа сорудаҕын 100 бырыһыан толорбут буолан үрдүкү былааска отчуоттуу охсон хайҕанаары: колхуос бэрэссэдээтэлэ Үрэллэ Ыстапаан, сүөһү биригэдьиирэ Көкөөс Дьөгүөр, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Адьырҕа Мэхээлэ уола Ахталба Дьарааһын уонна баартыйа эчиэйкэтин хотуна Киристиин иккитэ-хаста саната таарыйа этэн көрө сылдьыбыттара да, Бээгэй барахсан кылгас үйэтэ өссө уһуох быатыгар иччитэ Биэрэ иннин букатын биэрбэтэҕэ. Бу ыраахтаа±ы былааһа сууллубутун, сэбиэскэй былаас туругурбутун кэннэ нэһилиэккэ аан-бастаан тэриллибит «Күҥкү» табаарыстыба, онтон артыал, кэлин бөдөҥсүйбүт оннук ааттаах колхуос чилиэнэ, эдьиийдэрэ Биэрэ эмээхсин, эппит тылын экчи төлөрүппэт идэлээҕин, толлугаһа суоҕун, санаабытын утарытынан этэр туруору майгылааҕын бэркэ диэн билэр буолан, кинилэр да буоллар толлон тохтообуттара. Онон өссө Бээгэй, бэйи ити да буоллар, биһиги нэһилиэккэ муҥутуур былаастаах баһылыыр-көһүлүүр хомуньуус баартыйа уурааҕын туолуутун 99 бырыһыаҥҥа эрэ тириэрдибиттээх.
Бээгэй дьэ чахчы да ыраас хааннаах саха ынаҕа. Кыра эрээри киппэ, төп-төкүнүгүн үрдүнэн тэскэҕэр истээх, өрө эриллэн тахсыбыт лира курдук хороҕор муостаах, синньэ боруода ынахха тэҥнээтэххэ симменталь туҥуйуттан эрэ мэнэкэ, эмиийэ киһи нэһиилэ тарбаҕын төбөтүнэн бобо тутар быытыкаан. Оттон үүтэ аҕыйах эрээри хоп-хойуу, эриллибитинэн сүөгэй. Бэйэтэ айаҕар адьас талымаһа суох бор, мэктиэтигэр аҕыйах түүтэх окко тотор, аны тымныыны тулуйумтуо буолан кыһын хойукка диэри далга аһыыр, саас адьас эрдэ таһырдьа тахсар буолан, туһугар дьэ абыраллаах сүөһү. Арай, киһи хараҕар тута быраҕыллар уратыта – уҥуоҕунан кыратын аанньа, эбиитин кылгас бээгэй атахтаах. Ол иһин иччитэ ыары гыннаҕына уулуссаҕа тахсан эйэргээн икки таптаан: «Бээгээй, Бээ-гээ-эй! Кэл, кэ-эл!»,-диэн ыҥырар буолара. Дьэ оччоҕуна Бээгэй анал сытар оннуттан ойон тураат, боруода борооску эрэ саҕа бэйэтэ ыҥырана-ыҥырана кэбинэ сытар ынахтар быыстарынан тиэтэйэ-саарайа ыанньыйбыт аатыгар мин аҕай буолан дьиэтин диэки сайбалдьыйа турара.
Бээгэйиҥ кыра да буоллар бэйэтин түөлбэтигэр ынах сүөһүлэргэ "хотуннара" этэ. Кыра уҥуохтаахпын диэбэккэ бэйэтинээҕэр быдан бөдөҥ, иккитин саҕа үрдүк боруода ынахтары сөбүлээбэтэҕинэ эбэтэр бэйэлэрэ эрэ билэр бэрээдэктэрин кэспиттэри хороҕор муоһунан таптаабытынан үтүргэхтээн, санаабытынан силэйтэлээн кэбиһэрэ. Оннуларын тута буллартыыра. Ону биһиги, оччолорго кыра оҕолор улаханнык сөҕө көрөммүт төрөппүттэрбитигэр тиийэн улахан сонун оҥостон өрүсүһэ-өрүсүһэ кэпсиир-ипсиир буоларбыт.
Онтон Бээгэй иччитэ, эбээм Суоппуйа дьүөгэтэ Биэрэ эмээхсин сээкэйи-иктэни сэлэһэ киирдэҕинэ, түгэхтээх бүлүүһэҕэ үүттээх хойуу чэйин иһэн сыпсырыйа-сыпсырыйа ынаҕын хайҕыыртан соло буолбата. Кини эрэ Бээгэйин үүтэ хойуу, хоннорбут үүтүн холбуйдуҥ да бэйэтэ бэлэм сүөгэй, кини эрэ Бээгэйэ сылын аайы төрүүр, кини эрэ ынаҕа сытыары-сымнаҕас. Онтон таас хамсатыгар оҕуруо оһуордаах тирии саппыйатыттан мохуоркатын кымаахтаан ылан, эрбэҕин сүрэҕинэн симэ-симэ симменталь ынаҕын сирэртэн атын билбэт. Оһох иннигэр аргынньахтаан олорон, сыгынньах илиитинэн кытарбыт чоҕу ылан хамсатыгар ууран наллаан уматтан баран, буруотун үөһэ үрэн кэбиһэ-кэбиһэ боруода ынаҕын үүтэ олус элбэх эрээри уу судураанын курдугун, күн аайы бугулунан оту сиирин, айаҕар талымаһын наар үҥсэргээн кэпсиирэ. Онуоха хоһулаһан мин эбэм эмиэ биригэдьиир уола ким-хайа иннинэ сүөһүтүн кэлии боруода ынахха уларыппытын аанньата суох ахтара. Эбээм Суоппуйа дьонуттан хаалбыт төрүт удьуор сахатын ынахтарын аһыйара, биллэн турар, уйадыйар саҥатын дорҕоонугар олус чуолкайдык иһиллэн ааһара.
Ити Биэрэ Бээгэйиттэн сэдиптээн икки дьүөгэлии эмээхситтэр былыргыны, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн сылабаардара лаппа сойуор диэри олороллоро. Ааспыты санатыһан, бэйэ-бэйэлэрин тэптэрсэн биэрэ-биэрэ, быыһыгар-ардыгар дьээбэни-хообону кыбытан иэрийэ-иэрийэ күлэллэрэ-салаллара сибилигин да мин кулгаахпар бу баардыы иһиллэр. Бэл диэтэр, муннубар хамсаларын минньигэс күөх буруота, сойутарга* барбыт хоп-хойуу билиитэ чэйдэрин дыргыл сыта, айахпар тойуллубут тойуу саахардарын амтана сибилигин да биллэргэ дылы. Ол саҕана чэй, табаах, саахар, бурдук – уопсайынан ас-үөл, бородуукта барыта чахчы да ураты дьикти, киһини тоторор амтаннааҕа, сыттааҕа. Ити курдук Биэрэ эмээхсин хас сылдьыбыт ыалыгар киирдэҕин аайы, чэй иһэ-иһэ оҥостон олорон мэлдьи Бээгэйин эрэ хайҕаан кэпсиир идэлээҕэ. Кини тус олоҕо, дьиэтэ-уота, дьиэ кэргэнэ, оҕолоро-сиэннэрэ барыта Бээгэй эрэ тула эргийэрин курдук истибит эрэ киһи саныыра.
Бүгүн дьэ кырдьык Бээгэй эрэйдээх бүтэһик күнэ... Биэрэ оҕонньоро Тайыла оттуллубут оһоҕун иннигэр олорон хара сарсыардаттан сүгэтин чокуур ойдубут кэлтэгэй тааһыгар аргыый-наллаан сытыылаан кикирийдэ. Онтон аны доҕоро Уус Баһылай охсубут быһаҕын биитин эрбэҕин сүрэҕинэн сэрэнэн бигээн көрө-көрө хататынан кылаанын көннөрдө. Ити кэмҥэ эмээхсинэ Биэрэ ынаҕын идэһэҕэ туттуллуон иннинэ хаана элбээтин диэн утаҕын ханнарыар диэри тото уулатан, таарыйа ыга бырастыылаһан баран куотар а²ҥаардаах дьиэтигэр киирдэ. Ол гынан, аны биир-биэс саҥата суох хаан кутар, ис сууйар иһитин-хомуоһун, онно туттуллар уутун-хаарын бэлэмнээн букунайбытынан барда. Ити курдук оҕонньоро оһох иннигэр, эмээхсинэ аан таһыгар Бээгэйдэрэ эрэйдээх кэмэ кэлэн идэһэ буолар күнэ үүммүтүттэн, санааларыгар кырдьаҕас ынахтарын аһыйдаллар да, хайыахтара баарай оттон, наадалаахтарын бэлэмнээн түбүгүрэ сырыттылар.
Эмээхсин таайын мурун бүөтэ уола Молоочук, сарсыарда туран хотонун µлэтин үмүрүтэн, оһоҕун сабан, ойоҕун үлэтигэр, оҕолорун үөрэхтэригэр атаартаата, онтон ыалга идэһэ өлөрө барардыы киирэ-тахса сэмээр тэринэ сырытта. Булка илдьэ сылдьар, улахан булду: тыатааҕыны, тайаҕы-табаны сүлэргэ туттар быһаҕын биитин бигээн көрөөт куругар иилиммит тирии кыыныгар угунна, эттээх соҕус эт эттиир анал сүгэтин булан киллэрэн эрдэттэн ойоҕо бэлэмнээбит куулугар сэрэнэн укта. Бэҕэһээ киэһээҥҥи чэйдэригэр олордохторуна, кырдьаҕас эдьиийэ Биэрэ сиэнинэн биир-икки тылынан: «Сарсын кэлэн идэһэбитин дьаһайыстын»,-диэн илдьиттээбит этэ. Оҕонньордоох эмээхсин тэлгэһэлэрин элбэхтик тэпсибит, үүттэрин-чэйдэрин кэмэ суох испит киһи биирдэ көрдөспүттэрин хайдах аккаастыай. Сатахха, эдьиийин аахха, кыһайбыт курдук идэһэни сүүскэ охсор биир да эр киһи суох буоллаҕа. Улахан уоллара суоппар Уйбаан ыраах айаҥҥа сылдьар, кыра уол Баһылай тыаҕа бултуу тахсыбыта, икки күтүөттэн биирэ командировкаҕа, иккиһэ балыыһаҕа. Оттон күтүө оҕонньор Тайыла кырдьык кырыйда уонна урут-уруккуттан тарбыйаҕыттан көрбүт-истибит сүөһүбэр илиим-атаҕым отой барбат диир үгэстээх. Онон, аны дьэ Молоочукка туһугар эмиэ моһуок. Оҕо эрдэҕиттэн ити сүүскэ охсо, дьаһайса барар Бээгэйин үүтүн-сүөгэйин иһэн, арыытын, суоратын-иэдьэгэйин сиэн улааппыт киһиэхэ – туһугар эмиэ ыарахан этэ. Хайыай, кырдьаҕас дьону күүттэрэн олоруо баара дуо, оһоҕун айаҕын аһан табаахтаан, умса туттан олорбохтуу түһээт, сулбу соҕустук таҥнан дьиэтиттэн тахсан барда.
Биэрэлээх бырааттара Мончуура уола Молоочук кэлбитигэр оҕонньордоох эмээхсин биирдэ күө-дьаа буола түстүлэр. Эмээхсин остуолун тардар түбүгэр түстэ. Тайыла оҕонньор Молоочуктуун ол кэмҥэ оһох айаҕар олорон табахтыылларын быыһыгар буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ идэһэлэрин ханна, хайдах дьаһайалларын сүбэлэстилэр. Эмээхсин ыҥырбытыгар төгүрүк остуол тула олорон чэйдээн эрдэхтэринэ аны кырдьаҕастар икки кийииттэрэ саҥата-иҥэтэ суох көмөлөһө: хаан кутуһа, ис сууйса, ырытыһа диэн эр-биир киирэн кэллилэр. Ол гынан, бука бары аҕала сатыы-сатыы кэпсэтэ сатыы олордохторуна оҕонньор эмискэ төлүтэ биэрэн:
Соруктаах эр дьон тахсыбыттарын кэннэ, аны хаалбыт дьахталлар бэйэлэрин ыккардыгар хаһан ыҥыралларын кэтэһэ таарыйа кэпсэтэ олордулар:
Ити Бээгэй эрэйдээх хаһа буолла?- диэн кыра кийиит Балбаара хотунуттан сэмээр сэрэнэн ыйытта.
Эрэйдээҕим сүүрбэ биэһигэр чугаһаатаҕа буолуо. Бээгэйбин аһыйан бөлүүн аанньа утуйбатым. Кининэн бу дойдуга ыраас хааннаах саха ынаҕа бүтэр. Инньэ аҕам ийэтиттэн энньэ быһыытынан сэтиилэнэн кэлбит сүөһүтүттэн удьуордаан хаан тардар этэ барахсаным. Бээгэйим үүт-үкчү ийэтин курдук ээ, быһыылыын-таһаалыын, өҥнүүн-дьүһүннүүн. Аны өйө диибин диэн. Киһи саҥатын өйдүүргэ дылы. Дьүөгэм курдук сонуммун тоҕо-хоро кэпсиибин, ол аайы сэҥээрэн ыҥыранар. Сорох ардыгар тыллааҕа буоллар этиһиэх да курдук. ¤аа-айа... Сэгэрбин олох оҕом, дьүөгэм, дьиэ кэргэним тутаах киһитин курдук санаан таптаан илдьэ сырыттым. Барахсаным баара кырыйда, кытараата... Баарын ааттаах эрдэ тахсаммын Бээгэйбин бүөмнээн элэ-была тылбын этэн көрдөһөн туран ааттастым, махтанным, бырастыыластым, чэ уонна хараҕым уутун кыаммаккабын кэннибин хайыһан да көрбөккө тахсар ааны былдьастыым...
Дьиҥинэн бу саха ынаҕын эһиэ суохтаах этилэр. Ханнык баҕарар норуот олорор сиригэр табыгастааҕынан көрөн тыһыынчаннан сылларга үөскэппит сүөһүтэ эбээт. Ити биһиги дойдубутугар Дьарҕаалаахха барыта ыраас хааннаах саха ынаҕа. Боруода сүөһүнү аҕалары олохтоохтор ол саҕана адьас утарбыттара. Онон, сурах хоту иһиттэххэ, биһиэхэ эрэ саха сүөһүтэ хаалбыкка дылы. Мин эһиэхэ бастаан кийиит буолан тэлгэһэҕэ үктэнээт, тута бу Бээгэйи бэлиэтии көрбүтүм уонна наһаа да үөрбүтүм. Аймахпын булбут, дойдубар кэлбит курдук санааммын тута уоскуйбутум. Маннааҕы саха сүөһүтэ биһиэниттэн харахха быраҕыллар бөдөҥ эбит этэ,-диэн баран ыал улахан кийиитэ Маарыйа «Прибой» бөппүрүөскэтин тооромоһун, тарбаҕын төбөтүн тылыгар даҕайан илитээт, умулуннаран хам тутта.
Ити истэр былаһын тухары, дьиҥинэн, ыал барыта төрүт саха ынаҕын аһыйар аҕай. Ааспыкка хонтуораҕа бэтэринээр Өлөксөй саха ынаҕа мээнэ ыалдьыбатын, биһиги тыйыс айылҕабытыгар ииттэргэ быдан табыгастааҕын кэпсии олороро. Онно кыттыһан Чуолҕаны ферматын үүт тутааччыта Маайыска биһиги ынахпыт үүтэ боруода ынахтааҕар аҕыйах курдугун иһин, хойуутунан уонна сыатынан тэҥнээҕэ суох эбит. Саха ынаҕын үүтүн сыатын боруода ынах киэнин кытары ыаммыт үүтүгэр тэҥнээн үллэрдэххэ, оннук киһи хараҕар быраҕыллар уратыта да суох ээ диирэ. Оттон тайахха тэптэрэн арааһы сэлэһэ кэлбит тоҕуһуоннаах Топпуор оҕонньор кэлии ынах этэ сымсаҕын, амтана суоҕун, этэ-сыата кытаанаҕын сирэр этэ. Бэйэбит ынахпыт этэ быдан сымнаҕас, минньигэс, эмис уонна тотоойу да буолара диэн дьон быыһыгар хайҕаан чаҕаара хаалбытын тахсан иһэн кулгааҕым уһугунан истэн хаалбытым,- дии-дии Балбаара иһити-хомуоһу өрө тарда, остуолу хомуйа сырытта.
Ол кэмҥэ дьиэ кэннигэр эттээх сүгэ сүүскэ бүтэһитик охсуллар тыаһа истиэнэ нөҥүө иһиллээтин, Тайыла кэлэн дьахталлары ыҥыран түннүк арааматын сэрэнэн тоҥсуйан тобугуратта. Сити курдук баара-суоҕа биир охсууннан биһиги дойдуга саха ынаҕын бүтэһик удьуора, Биэрэ эмээхсин тапталлаах ынаҕа, бэйэтэ этэринэн дьүөгэтэ Бээгэй эрэйдээҕинэн быстыбыта. Арай барыны-барытын чуҥнуур, көрө-истэ сылдьар суор аймах хаан сытын билэн, кинилэр эрэ дьэ үөрэн-көтөн, оргууй аҕай кулух-халых саҥара-саҥара: кырдьаҕастара хотон таһыгар турар хаппыт тиит хас лабааларын аахтара, эдэрдэрэ, быйылгы оҕолоро бүтэй мас остуолбаларыгар босхо ас быстан түһэрин күүтэн сохсоллон олорбуттара.
Эбиэт иннинэ Бээгэй эрэйдээх сырдык бороҥ тириитэ бүтэй сиэрдийэтигэр тэҥнии иһинэн тиэрэ быраҕыллан, номнуо кырыанан бүрүллэн ыраахтан кытара кыыһара...
Дьэ итинник хаһан эрэ баартыйа, былаас дьаһалын олоххо киллэрээри бука бары күргүөмүнэн, олус диэн тууһугуран туран: олоҥхо утары охсор илиибитин ууммут, кытыйаны кытары бырастыыласпыт, ыраас хааннаах төрүт ынахпытын төрдүттэн эспит түгэммит баара.
Муттуххай БОРОҤ