Кэпсээ
Войти Регистрация

Уопускам биир күнэ

Главная / Кэпсээ / Уопускам биир күнэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
02.11.2024 15:12
61 0

Автор: УРУТ - 22 марта 2020 17:11

Хара муора кытыытынааҕы куорат. Бүгүн сөтүөлүү барбакка, куоракка дьаарбайардыы сананным. Оптуобуһунан ааһан иһэн, дьон тоҕуоруспут сирин көрөн, кэлэр тохтобулга тахсардыы сананным. Маҥан шортик, маҥан фудболка, күнтэн хаххалыыр ачыкы уонна маҥан киэпкэ. Чырбалдьыйан мааны эр бэрдэ. Болуоссат диэки хааман иһэбин. Дьон бары мин диэки көрөр курдуктар. Дьэ манна баар эбит үөрбүт - көппүт сирэйдэр. Ким сыал ытар, ким мээчигинэн быраҕар, мороженнай атыыта, сувениирдары атыылааччылар, аһыыр сирдэр, кустары, холууптары аһаталлар. Оҕолор барахсаттар фантааҥҥа хаһытаһан айманаллар. Быһатын эттэххэ, дьон күргүөмнээхтик сынньана сылдьаллар. Мин болкуон курдук үрдэлгэ, үөһэттэн дьону сэргэни көрөбүн. Ол туран биир дьикти, халлаан күөх өҥнөөх бууккаҕа, дьон субуруһа уочараттаабыттар. Туохха турдахтарай дии санаан онно тиийдим. Тугу атыылыыр буоллахтарай диэн бэйэбиттэн ыйыта саныыбын. Уочаракка тиийэн, сытыттан биирдэ биллим. Дьон чэпчэтинээри уочараттаабыттар эбит. Бачча кэлбиччэ уонна иһин киирэн көрөөрү уочаракка турунан кэбистим. Дьэ киирэн тахсан баран сөрүү диэн сөҕөн таҕыстым. Иһиттэрэ туоллаҕына кураанах иһитинэн солбуллар, туллар гына оҥорбуттар эбит. Дьэ дьон өйүттэн сөҕөн, төттөрү болкуон курдукпар тахсан турдум. Үксүн хараҕым оҕолору аралдьытар клоуну көрөбүн. Оҕолорго фокус көрдөрөр ону көрөн күлэбин үөрэбин. Арай ол туран көрдөхпүнэ, оҕолор кыра холорук оҕотун эккирэтэ оонньууллар. Сүтэн хаалар онтон эмиэ эргичийэн кулахачыйар. Ол аайы оҕолор эккирэтэн сүүрсэллэр. Эмиэ да тыал баара биллибэт. Онтон арыычча кыаҕыран, биир мааны чүөчэ сэлээппэтин былдьаан ыраах элээрдэн кэбистэ уонна эмиэ сүппүккэ дылы буолла. Чочумча соҕус буолан баран быласымаас остуоллары, олоппстору уонна күнтэн хаххалыыр атыыһыттар зонтиктарын өрө ытыйан таһаарда да онно манна ыскайдаталаан баран эмиэ сүтэн хаалла. Мин үөһэттэн көрөн турабын. Сэрэхэчийбиттэр, оҕолорун сиэтэн тэскилээн биэрдилэр. Палааккаларын атыыһыттар көннөрүнэ сырыттахтарына эмиэ остуоллар олоппостор үөһэ кыырай халлааҥҥа өрө көтөн таҕыстылар. Бу сырыыга эргийэн кулухачыйаллар. Мин ону көрөн, аралдьыйан туран хааллым. Холоругум уоскуйуох санаата суох, өссө күүһүрэн, кыаҕыран, туох түбэспити барытын бэйэтигэр оморон ылар. Били мин сөҕө көрбүт күөх бууккабын олох да ыарырхаппакка өрө көтөҕөн таһаарда да эргитэн кулахаччытта. Били иһитэ сулбу ойон таҕыста, хайаҕаһа таҥнары эргийэн биэрээтин кытта, эмиэ эргитэн кулахаччытта. Ардах суоҕар ардах диэбиккэ дылы, кими да матарбакка, барыларыгар тииһиннэрэр гына, бөдөҥ таммахтарынан ыскайданна. Били үөрэ көтө, сынньана сылдьыбыт дьоннорум, маатыры куутуру, хаһыы ыһыы бөҕө буола түстүлэр. Миигин олох умнубата, дьэлэй соҕустук бэрсэн ааста. Били маҥан таҥаһым киһи кыайан ойуулаан эппэт дьүһүннэнэ түстэ. Ачыкым хара тааһаа тугу да көрдөрбөт гына ньамахтыйан хаалла. Тоҕо эмиэ айахпын атан биэрээхтээбитим буолла. Айахпар соччо үчүгэйэ суох амтан биллибитин, тибиирбиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Мин да маатыралыыры сатыыр эбиппин. Дьэ оннук эргитэн кулахачытан мааны куорат устун көтүтэн илдьэ бара турда. Дьон сөҕөн кэпсэтэрин иһиттэххэ үс күөх буукка суох үһү. Сорохтор ньаҕайдаммыттар бааллар этэ. Хата миэхэ убаҕаһыттан бэрсээхтээбит эбит. Мааҕыын бары мин диэки ымсыырбытты көрбүт буоллахтарына, билигин тэйэ куотан биэрэр киһилэрэ буолла түстүм. Мин дьолбор хата сөтүөлүүр сирдэрэ чугас буолан абыраата. Дьон элбэҕэ суох дии санаабыт сирбэр киирэн, астыга да суох буоллар туустаах уунан сууммута буоллум. Таҥаспын харыһыйдарбын да сөтүөлээбит сирбэр хааллардым. Дьэ оннук куоракка күүлэйдээн турардаахпын. Хара муора кытыытынан сатыылаан, түспүт дьиэбин буллум.
2020. 22. 3.

Добавить комментарий