Кэпсээ
Войти Регистрация

Ромбек

Главная / Кэпсээ / Ромбек

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
02.11.2024 15:24
2k 0

An image to describe postАвтор: Сахабын67 5 июля 2018 14:45

Билэбин иккиэн ыллык устун хаампаппыт
Билэбин биһи суолбут кыайан холбоспот
Билэбин санньыар ырыаҕын туойаргар
Мин сырдык мөссүөммүн хараххар көрөргүн

Беларусь трактор бэрэбинэлэри кунунан баһан ылан лесовоз прицебыгар уурталаата. Рома туора-маары түспүт мастары көннөртөөтө. Бу бүтэһик бэрэбинэлэр эбит. Рома — саар-тэгил уҥуохтаах, сахаҕа орто үрдүктээх, баттаҕа кырыа курдук инэн-манан маҥхайталаан эрэр, сүүһүн аннынан сытыытык көрбүт, ыраас хааннаах 50-гар чугаһаабыт киһи. — Все! Туолла. Эбиэттии охсон баран бөһүөлэктиир инигит ээ, Вадим? Рома прицеп үрдүттэн ыстанан түстэ. — Ромбек, эн инник үрдүктэн ыстаннаххына тугуҥ да ыалдьыбат дуо? — диэн ыйытта Вадим. Вадим диэн Роматтан биир сыл балыс, оҕо сааһын табаарыһа. — Суох. Тоҕо ол ыалдьыай? — Дуо... оттон мин массыынам кабинатыттан да ыстанан түстэхпинэ түөһүм хайдан, атаҕым быарбар батары киирээри гынар дии. — Оттон, постоянно бураҥҥа үрдэрэҕин, кыһыннары ууга сөтүөлүүгүн. Хаста аһаан баран хаарга хонон турбутуҥ буолуой? Ол барыта оҕустаҕа дии. Түүн үлэлиигин, күнүс үлэлиигин. Эдэр ойохтоох киһи... кулгааҕыҥ эрэ таллайан хаалбыт. Бары күлсэ түстүлэр. — Ромбек диэн айылҕа оҕото буоллаҕа дии. Арыгы да испэт, табахтаабат даҕаны. Сиэгэн курдук күүстээх, чубуку курдук кытыгырас... Киһи кыра диэн сэнээн былдьаныах киһитэ — үрдүк уҥуохтаах Миша беларуһун аттыгар туран илиитин тэрээпкэннэн сотто-сотто иҥиэтиннэ. — Аны биир прицеп хаалла. Массыына кэлиэр дылы трелёвкалаан бүтэрэр инибит — Рома үөрбүтэ сирэйигэр көстөр. —Ромбеек! Бу уолу уһугуннаран аһаппытыҥ дуо? — Вадим саҥата балаакка иһиттэн иһилиннэ. — Ээ, суох доҕор! Маарыын уһугуннараары гыммыппар кыыһыран охсуоланар-тэбиэлэнэр этэ. Ол иһин убайа аһатар ини диэн тыыппатаҕым... — Рома илиитин сууна туран саҥарда уонна аргыый — олох да умнааспиппин — диэн баран тылын былтах гыннарда. Бары балааккаҕа аһыы кутуллан киирдилэр. Рома уолун дьиэтин бэрэбинэтин киллэрэн бүтэрэн эрэллэр. Хата сылаас кыһын буолан абыраата. — Ромбек былырыын маскын ким трелевкалаабытай? — Егор бөҕө дии... Эмиэ биир кэпсээннээх киһи... — Рома миин кутуталыы туран кэпсиир. — Үлэлии сылдьан кэпсээбитэ... дойдутугар мастыыра эбитэ үһү. Онно ,,Умка" диэн ыттаах эбит. Арай үлэлии сырыттаҕына ол ыта тайах үүрэн аҕалбыт. Онто ырыганын көрөн Егор — Уумкааа... — диэн баран төбөтүн быһа илгистэн кэбиспит. Онуоха ыта сүүрэн хаалбыт. Дружбанан мас охторо турдаҕына атын тайаҕы үүрэн аҕалбыт. — Оо, бэт тайах! Тохтоо Умка. Маспын суулларыым — диэбит. Маһын охторон баран балааккатыттан саатын ылбыт уонна — Уумкаа! Ойоҕоһунан эргит! — диэбит. Ыта эргитэн биэрбит үһү... биирдэ ытаэспитим диир. Дьоннор күлсэ түстүлэр. — Аны балыгын көрүөҥ этэ. Куулга үс собону уктаҕына төрдүс собо ортотугар эрэ дылы киирэр үһү... кутуруга быга сылдьар. Оннук бөдөҥнөр диир. Кэпсээтэҕин аайы размердара улаатан иһэр. Бачча этэ диэн илиитин сототун ортотунан көрдөрөр. Аныгыс кэпсээнигэр бачча этэ диэн илиитин тоҥолоҕунан буолар. Ону — ити өссө кырата буолуо — диэтэхпинэ — аһаа — дии-дии төбөтүн тоҥхоҥнотор... Дьоннор күлсэ-күлсэ аһаан бүттүлэр. Салгыы үлэлии таҕыстылар. Рома быраатын дружбата сытарын көрдө. — Гоша дружбаҥ үлэлээтэ дуо? — Аа, билигин тахсан көрүөм — быраата сүрдээх бытаан, тарбаабыт ынах курдук киһи. — Чэ да, кытаат. Хайдах эмэ күүскүн мунньунан баран оҥостон көр. — Илээт дружбата үлэлиэн баҕарбат — дии-дии Гоша сэбин хасыһан барда — Аҕыйах да мас охторо хаалла. — Если долго мучиться... что-нибудь да получится диэни билэҕин? — Рома Гошаны дьээбэлээтэ. — Сергей! Гоша дружбатын көрөҕүн дуо? Мин бэйэм чекеровщиктыам. — Аа, сөп. Бу молодой хантан сатыай... дружбист да буолаахтаан... — Дружбист үһүгүн дуо? Китайскай подделка буоллаҕыҥ дии диэ... — Ээ, да Ромбек! Наһаа хотума эрэ! Күлсэ-күлсэ тарҕастылар. — Чэ, Вадим түргэн соҕустук кэлээриҥ. — Эс, да Ромбек... начаас буоллаҕа дии, ханна ол тардылыннахпыный... — Ну... мало-ли... баҕар күнүскүлүү сытыаҥ дии, эдэр кэргэннээх киһи... — Ээ, блииин... тоҕо санатаҕын дааа! Ити баар... уже хойутуур буоллум. Бэйэҥ кэһэй, баҕар баще да хоно хаалыам... — дии-дии массыынатыгар киирдэ. — Как.. хаалыам? Дьэ буорайдахпыт дии. — Рома күлэ-күлэ деляна диэки хаама турда. Салгыы мастарын состордулар. Бэрэбинэни хаар анныттан хостоон чекерынан холбоон биэрэр. Беларусь эстакадаҕа үстүү-түөртүү маһы илдьэн иһэр. Ол курдук бүтэллэрэ чугаһаата. Рома бэрэбинэни чекерынан холбоот туораан биэрдэ. Беларусь бирдьигинии түһээт хаарга сыста сытар маһы хоҥнору тардан соспутунан барда. Рома кэннинэн тэйэн истэҕинэ бэрэбинэ хаар анныгар сытар маһы төбөтүнэн иилэн ылан көрүөх бэтэрээ өттүнэ киһини хатыйа охсон кууһуннарда... Рома ыраах хаарга эһиллэн хаалла. Тыраахтар иһиттэн Миша ыстанан түстэ. — Ромбек! Хайдаххыный? — киһитин өҥөйөн көрдө. — Атаҕым тоһунна быһыылаах... 2). Рома атаҕын тоһутан сыппыта иккис нэдиэлэтэ. Балыыһаҕа гипсэлэтэн дьиэтигэр тахсыбыта. Тугу да гынара суох. Телевизор көрөр, ватсаптыыр. Мээнэ сыта сатаан урукку хаартыскаларын көрөр. Хаартыскаларын көрбөтөҕө ырааппыт да эбит. Соло да суох буолааччы... бу кэргэнин Вераны кытта холбоһуон иннинэ. Кэргэнэ барахсан олох оҕо эбит дии. Саҥа учуутал буолан үлэлии кэлбит сыла эбит. Бу оҕолоро. Бу Дьокуускайга, сибээс техникумугар үөрэнэ сылдьан түспүт альбома. Альбому арыйталаан көрө сытта. Бүтэр сылларыгар группанан түспүт хаартыскалара... оттон бу... сүрэҕэ күүскэ тэбэн кэллэ... бу Олесялыын куустуһан сүтэрсиэхтэрин эрэ иннинэ түспүт хаартыскалара... Рома хараҕын симэн урукку дьоллоох кэмин санаан хараҕа ууланан кэллэ...

1989 сыл. Якутскайга Рома Жуков кэнсиэрэ стадиоҥҥа буолаары турар. Рома табаарыһын, Андрейы кытта кэлбитэ. Андрей кэтит сарыннаах, спортивнай көрүҥнээх, киппэ уол. Иккиэн да эдэрдэрэ, таҥна-хапта сылдьаллара, самоувереннайдара хайа баҕар кыыс хараҕа хатанар уолаттар. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро номнуо үөрэнэн бүтэн распределениенан үлэлиэхтээх сирдэригэр тарҕаспыттара. Рома дойдутугар барыахтаах. Стадиоҥҥа киирэн ханна олоруохтарын көрө турдулар. — Ити икки кыргыттарга бардыбыт — диэт Рома бастаан хаама турда. Кыргыттар аттыларыгар тиийэн олордулар. Сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөххө үөрэнэ кэлбит буолуохтарын сөп эбит. Бэтэрээ олорооччута сытыы кыыс эбит. Көрөн-истэн, биир сиргэ таба олорбокко тула эргичиҥнээн, этэн-тыынан, күлэн кэбиһэ-кэбиһэ ''саҥаран баран кэлээр'' диэбит кыыстара быһылаах. Нөҥүө олорооччута бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, төгүрүк сирэйдээх, арылхай, киэҥ харахтаах, бэйэтин сааһыгар боччумнук көрүтэлиир кыыс. Үксүгэр саҥата суох олорор. Концерт саҕаланарын кэтэһэ таарыйа Рома кыргыттары кытта кэпсэтэн барда: — Саха мааны кыргыттарын кытта билсиһиэххэ син дуо? Кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. Бэтэрээ олорооччу кыыс: ''Билсиэххэ син'', — диэтэ. Рома туран бастаан саҥалаах кыыска илиитин уунна: — Андрей диэммин — төбөтүн төҥкөс гынна. — Викабын. — Рома диэммин — аны иккис кыыска илиитин биэрдэ. — Олесябын, аксиэ!... — кыргыттар күлсэ түстүлэр. — Оонньоон эттим. Ромабын. Оттон бу ааттаах атаһым, Андрей. Ити кинини билсиһиннэрдим. А, то биир тылы ыган таһаарыаххыт суоҕа. Саҥата суох гынан баран, глухо-немой буолбатах. Просто человек застенчивый. Үтүө киһи. Эн аттыгар олоруохха син дуо, Олеся? — Рома кыыс хараҕын тонолуппакка көрдө. — Олор — кыыс тулуйбакка атын сир диэки хайыста. Рома кыыс нөҥүө өттүгэр олордо. Инньэ гынан кыргыттар ортолоругар буоллулар. — Олеся тугунан дьарыктанаҕын? — Үөрэнэбин. — Оттон Вика? — Мин эмиэ. — Иккиэн бииргэ үөрэнэҕит дуо? — Суох. — Ханныкка үөрэнэҕин, Вика? — Саха тылын салаатыгар. — Оттон Олеся? — Кыыс саҥата суох атын сир диэки хайыста — ой, ой кыбыстар игин. —күлсэ түстүлэр — этиий, на кого учишься? А, то не отстану. — Иняз... уоскуйдуҥ да? — Уоскуйан. Как камень с души — Ну и ладненько. — Ничего не ладненько. Хантан сылдьаҕыт? — Тоҕо наһаа элбэҕи ыйытаҕын? — Так ведь, я ж следователь. Милиционер в пятом поколении. Имя, фамилия, размер сапог? — мичээрдиирин кубулуппакка уол ыйыта олордо. — Наһаа инник доппуруостаан барбат буоллаҕыҥ дии — Олеся мичээрдии-мичээрдии саҥарда. — Аа, үлэбэр бэриниилээҕим бэрт. Мээнэ да сылдьан үлэлии сылдьар курдук буолааччыбын. Киһини барытын билиэхпин наада. Баҕар туох эрэ буруйу оҥорбутуҥ буолуо дии. Олеся... чэ, колись! — уонна куолаһын намтатан, кыыс диэки кулгааҕын чугаһатан баран — туох буруйу оҥорбуккунуй? По секрету эт. Кимҥэ да этиэм суоҕа. Я же — джентльмен... — Ээ бар... буруйу оҥорботоҕум. — Оччоҕо ити подругаҕын кэпсээ эрэ... явно тугу эрэ оҥороору замышляйдыыр быһылаах. Я нутром чую. — Этимэ Олеся. Секреппытын — кыргыттар күлсэ олордулар. — Чээрэ, Вика. Откуда, куда, зачем? Сними грех с души. Барытын кэпсээ. — Рома кыыс хараҕын супту көрдө. — Тугуо? Бу уол хараҕа сытыытыаан... тобулу көрөн түһэҥҥин. — Так я ж внук Джерзинского. Ол иһин хараҕым рентген. Эйигин например, олох курдаттыы көрөбүн. Честно эт. Хас уол сүрэҕин алдьаттыҥ? Хас кыыс олоҕун түҥнэрдиҥ? — Ол хайдах мин кыыс олоҕун түҥнэрэбин? — Кэргэннэрин былдьаан. — Оо, дьээ... наһаа да былдьаабатарбын. — Явно былдьаабыккын. Сирэйиҥ-хараҕыҥ олоруута оннук — Рома күлэр, сирэйэ буоллаҕына сип-серьезнай. Кыргыттар күлэн быара суох бардылар. — Ону-маны саҥаран уол оҕотоҕун дии, кыыс төбөтүн эргитиэх уолгун. — Оттон инникпин ээ, Вика. Бэйэбиттэн бэйэм саллабын... как так можно? — күлэ-күлэ Рома эппиэттээтэ. Олеся Романы биһирээбит харахтарынан көрдө. Эмискэ микрофоҥҥа ведущай саҥата иһилиннэ. Рома Жуковы билиһиннэрдэ. Концерт саҕаланна. Утуу-субуу ырыаттан ырыа кутуллан барда. Стадион иһэ өрө оргуйан олорор, ыһыы-хаһыы, свисток... Халлаан хараҥарда. Прожектордар холбоннулар. Бүтэһигэр ырыаһыт публиканы сцена анныгар кэлэн үҥкүүлүүллэригэр ыҥырда. Дьоннор сцена анныгар кутуллан киирдилэр. Ромалаах төрдүөн онно бардылар. Кыргыттар үөрэн харахтара тырымнас буолбут. Настроениелара көтөҕүллүбүтэ сүр.

Бу кэмҥэ Рома Олесяны илиититтэн тутта. Кыыс илиитин төттөрү ылбата. Концерт бүтэн тарҕаһыы буолла. — Эһигини атаарыахха син да? — Рома Олесяны утары көрөн туран ыйытта. — Атаарыҥ — кыыс мичээрдиирин кубулуппат. — Чэ, оччоҕо — диэн баран Рома кыыска илиитин тоһуйан биэрдэ. Кыыс саҥата суох Рома илиититтэн тутта. Андрей Викалыын хаамсыбытынан бардылар. — Автобус остановкатыгар барабыт дуо? — Суох, дьиэм мантан чугас. Дом пионеров аттыгар эдьиийбэр олоробун. Онно хонуох буолбуппут. — Ээ, бэт байы дии. Онно хонобут да? — Ээ, бар... кыттыһан хайаан уол оҕотоҕун дии. — Аа... эһиги иккиэн диэ... — чочумча саҥата суох хаамтылар — Олеся хантан сылдьаҕын? — Ээ, чэ, билэҥҥин хайыыгын... — Как хайыыгын... просто билиэхпин баҕарабын. — Сылаас баҕайы түүн дии... — Сылаас, сылаас... так как, насчет откуда? — Тууйсиэ... эппэппин! — Аата куһаҕанын... — Ычча. Хайдах эрэ тоҥуох курдукпун. — Тоҥноххуна мин кууһан ириэриэм сөп? — Ээ, суох. Рома илиитин кыыс илиититтэн арааран синньигэс биилиттэн кууһан хаамтылар. — Мин биири ыйытабын? Көҥүллүүгүн? — Смотря тугу ыйытаргыттан. — Уоллааххын дуо? В смысле ухажёр? — Тыый да, эн хайдах билсээт да инник интимнай вопрос биэрэҕин? Не скажу. — Эс, этиий да. Тугуҥ да туллан түспэт ини. — Туллар. — Клейдиэм буоллаҕа дии. — Клейдэммэт. — Суперклейдээхпин. Жескайдык тутар. Чэ, этиий. — Суох диэтим. — Пы... аата куһаҕанын. Сүгүнүнэн арахсыам суоҕа... — Баар да буоллаҕына билэн хайыыгын? — Блииин... зря ыйытан... сүрэҕим тохтоору гынна... жоскай удар ыллым... — Кэһэй — Олеся мичик гынна — мээнэ ыйыппат буол. — Суох диэхтээх этиҥ. — Тоҕо? — Лучше сладкая ложь, чем горькая правда. — Мээнэ ыйытыма ээ. — Сөп. Оччоҕо по существу өссө биирдэ ыйытабын... хантан сылдьаҕын? — Оо, боже... Туох ааттаах ону билэ сатаатыҥ? — Эс, как это билэ сатаатыҥ? Обязательнай буоллаҕа дии. Баҕар эн олорор сиргэр мин паапам командировкаҕа игин сылдьыбыта буолуо. Олох да биир паапалаах буолан хаалыахпытын сөп. — Акаары быһылаах — Олеся күлэр. — Чэ, кэллибит. — Аа, бу да? — Аһаа. Ити түннүк — мин хоһум. — Ясно. Намек понял. — Какой ещё намек? — Оттон ити түннүгүнэн киирээр диэбэтиҥ да? — Бүт эрэээ! — кыыс күлэ-күлэ уолу охсуолуур. Рома көмүскэнэ-көмүскэнэ — Ладно, ладно. Шутка дии... туох ааттаах күүскэ охсоҕун. Инвалид оҥордоххуна эн көрөҕүн да? — Ээ, бар. Сиделка булбут дии... — Хайа? Бу дьон туох буолан охсустугут? Сорох еле-еле билистэ. Эһиги уже билсэн, таптаһан, охсуһа сылдьаҕыт дуу... — Андрей саҥата иһиллэр — Оксиэ! — кыыска сибигинэйэн — Рыба заговорила — диэтэ уонна Андрейга туһаайан — Аа, бу кыыс кэргэн ылбаппын диэбиппэр кыыһырда. — Дааа... кырдьыктаан кырдьык — Олеся эмиэ охсоору илиитин көтөхпүтүгэр Рома куотан хаалла. — Һуу, хата быһый буолан куоттум, илиитэ ыараханаа... кырбаары гыннаҕына көмүскэһээр дии, Андрей — дии-дии күллэ. — Сарсын кэлиэм дии, Олесенька? — Кэлэн көрөөр. Маһынан быраҕыам — күлэ-күлэ эппиэттээтэ Олеся. — Чэ, покаларыҥ кыргыттар. Надеюсь миигин түүлгэр көрөр инигин, Олесенька. — Эйигин түүлбэр көрдөхпүнэ баттатан утуйбат буоллаҕым дии — кыргыттар күлэ-күлэ дьиэҕэ киирдилэр.

Рома дойдулуур билетын ылбыта. Кэлии-барыы элбэх буолан билет чугас чыыһылаҕа суох. Ханнык датаҕа баарынан ылбыта. Билигин Андрейдаах Машаҕа олорор. Андрей, Маша — игирэлэр. Билбэт киһи убайдыы балыс диэн көрбөт. Андрей — киппэ, аргыый, толкуйдаан саҥарар, спокойнай уол. Машуля — намыһах, ртуть курдук биир сиргэ таба олорбот, биир кэм движуха кыыс. Ыгым, өһөс характердаах. Кыыһырбыт кэмигэр тугу баҕар күүтүөххэ сөп. Охсон баран бырастыы гын диэҕэ. Ромалаах Андрейга атаахтаан улаатта. Ромалыын параллельнай кылааска үөрэммиттэрэ. Соседтыы олорбут буоланнар кыра эрдэхтэриттэн бииргэ оонньоон, бииргэ сөтүөлээн кэлбиттэрэ. Улаатан баран биирдэ, Маша кыыс бодотун тардынан (ону да ийэтэ модьуйан) туспа, кыргыттары кытта оонньуур буолта. Билигин да үһүөн бэккэ тапсан сылдьаллар. Романы дьиэлэригэр күүстэринэн көһөрөн аҕалбыттара. Игирэчээннэргэ дьонноро үөрэнэллэригэр диэн бу дьиэ атыыласпыттара. Рома уһуктубута күн уота күүһүрбүтэ ырааппыт. Андрей ороно хомуллан турар. — Ханна барбыт буоллаҕай? — диэн саныы-саныы тыыллаҥныы сытта. Андрей аккуратнай бөҕө. Таҥна-симэнэ сылдьара да кыргыттары тардар. Онно холоотоххо Рома оронун сороҕор оҥостубат. — Ыксаатым, Машуля хомуйар инигин — диэн баран сүүрэн хаалар. Машуля киирэн хомуйбут буолар. Кыыс кэнниттэн батыһа сылдьан хомуйарыгар үөрэнэн хаалбыт. Дааа... бэҕэһээ үчүгэй да кыыһы кытта билистэ. Элбэх кыыһы көрүстэ да, кэпсэттэ да... ити кыыһы көрөөт сөбүлээтэ. Бүгүн бара сылдьыам — дии санаабытыгар этин устун үөрүү долгуна дьырылаан ааста. Хоско Маша киирэн кэллэ. — Дорообо, Ромбек. — кыыс күөмэйэ ыалдьан нэһиилэ саҥарар. Рома оронугар кэлэн олордо.— төһө бэрт концерга сырыттыгыт? — Аа, үчүгэй. Эмп истиҥ да? Буорайаахтаабыккын дии, һыллыы — Рома кыыһы аһынан, кэрэчээн сирэйин одуулуур. — Буорайан. Эм арааһын хааланным. — Ыалдьыбатаҕыҥ буоллар бииргэ сылдьыа эбиппит. — Дии. Абалаах баҕайы. — Чэ, ничего. Өссө да концертар буолаллар ини. Сылдьыахпыт. Андрей ханна барда? — Эдьиийбит ыҥырбыта. По телефону. Хаһан кэлэрэ буолла. Туран аһыыгын дуо? Плов буһардым. — Аата үчүгэйин. Манна аҕалбаккын да? Завтрак в постель — Рома күлэ-күлэ турда. Плавканан эрэ сиэркилэҕэ тиийэн баттаҕын тараанна, былчыҥнарын күүрдэн көрдө. — Сахаҕа үчүгэй уолбун ээ? Машуля? — Маша уол кэтит саннын, синньигэс биилин имэрийэ көрдө. — Крассавчиккын. — Эн да хаалсыбаккын. Машуля. — уол кыыһы иэдэһиттэн уураан баран кухняҕа баран эрэр кыыһы попкатыгар охсон ,,таш" гыннарда. Аһаан бүттүлэр. Маша күөмэйэ ыалдьан буорайбыт. Ыйыстарбар ыалдьар диэн сүгүн да аһаабата. Кэпсэтиэн баҕарара көстөр. Этээри гына-гына эппэт курдук. Андрей кэлбэтэ. Арааһа үлэлии хаалла быһылаах. — Андрей көмөҕө ыҥырбата. Онон мин наадам суох быһылаах. Оһуобай асчыккын дии, Машуля. Хайа дьоллоох эйигин кэргэн ылар. Завидую. — Эн да бааргын дии. Ылыаххын. — Мин да? Андрей төбөбүн быһар буоллаҕа дии. Маннык дьахтарымсах киһи балтыбын буортулаата диэн. Сотору кэлиэм. По делам сүүрдүм. Эмп атыылаһабын да? — Суох. Барыта баар. Хлебта ылаар дии. — Аа, сөп. Ылыам. Маша сайыспыттыы көрөн хаалла. Таһырдьа тахсыбыта күн барахсан сып-сылааһынан угуттаан, үчүгэйэ сүрдээх. Ленин площадынан ааһан иһэн нуучча эмээхсинэ сибэкки атыылыы турарыттан биир лилияны атыыласта. Олеся дьиэтигэр кэллэ. Бу түннүк диэбитэ дии. Иккис этээс түннүгүн кыра тааһынан бырахта. Туох да биллибэтэ. Өссө бырахта. Эмиэ туох да биллибэт. Баҕар кухняҕа буолуо, баҕар сууна сылдьара буолуо. Кэтэһэ түһэн баран өссө быраҕаары гынан истэҕинэ Олеся көһүннэ. Рома үөрүүтүттэн сирэйэ сырдыы түстэ. — Оликка, привееет! — Хаҥас илиитин кэннигэр тутан туран, уҥа илиитинэн далбаатаата. Олеся түннүгү арыйда. — Привееет! — кыыс дорооболоһон далбаатанна. Үөрбүтэ сирэйигэр көстөр. — Оликка, мин тугу эрэ эйиэхэ аҕаллым. — Ээ, да? Тугу? — Бу — Рома сибэккитин уунна. — Уааай! Тыыннаах дии. — кыыс үөрүүтүттэн ытыһын охсунна, кууһан ылыахтыы түөһүгэр сыһыарда — Аҕал. Ууга угуом. — Рома быраҕаары гынна. — Тохтоо, аанынан киир даа. — Рома үөһэ тахсан квартира аанын таппыта аһаҕас. — Дорооболоруҥ! — Киир, киир Рома! Рома кэтэһэн турда. Сотору соҕуһунан Олеся кэллэ. Халаатынан сылдьар. Сибэккитин Олесяҕа уунна. — Киирэн олор дии, мин түргэнник... — Кыыс сибэккини ылан сүүрэн хаалла. — Сотору эдьиийим кэлиэ. — Пааркаҕа барабыт да? — Барыахха. — Вика? — Сарсыарда туран барбыта. — Аа, ясно. — Чэй иһэҕин? — Аһаан кэлбитим. Эн аһаатыҥ да? — Аһаабытым. — Олеся таҥнан бүтэн таҕыста. — чэ, бардыбыт. Ромалаах сиэттиһэн таҕыстылар. — Сарсыарда эйиигин санаабытынан уһугуннум ээ. Оликка... — Айуучэ... наһаа санаабытынан да? — Тыый, кырдьык этэбин ээ... эн миигин санаабатаҕыҥ да? Кыыс саҥарбата. Килбиктик мичийэн кэбистэ. Кыыс тугу саныырын биһиги хантан билиэхпитий... Кыыстаах уол сиэттиһэн парка диэки хаамса турдулар

Рома табаарыстарын кытта кафеҕа олороллор. Оҕолор ону-маны кэпсэтэн айманаллар. Кини буоллаҕына түннүгүнэн ааһар массыыналары, дьоннору одуулуу олордо. Бу күннэргэ Рома көтүөн кыната суох буолан сылдьар. Олесятын санаатаҕына сүрэҕэ үөрүүнэн туолар. Ыллыан-туойуон баҕарар. Главнайа Олесята эмиэ таптыыр. Таптыыра хараҕар көстөр. Уже хаста-хаста көрүстүлэр? Бэҕэһээ киинэҕэ сылдьыбыттара. Дойдутугар көтөрө бу кэллэ. Ону санаатаҕына санаата хараастар. Чэ, сибилигин үчүгэй буоллаҕына бэрт буоллаҕа дии. Тугун эмиэ санаарҕаан... живи сегодняшним днем! диир буоллаҕа дии. Кыыһын билигин көрсүөхтээҕин санаан сүрэҕэ күүскэ тэптэ. Бүгүн эмиэ паркаҕа барыахтаахтар. — Айаббыааан! Ромбегы көр, манньыйа аҕай олорор. Били кыыһын саныы олорор быһылаах. Рома Тоня саҥатыттан соһуйан устуулуттан суулла сыста. Кыргыттар күлсэ түстүлэр. — Наһаа үчүгэй паара дииии... барсаллара да бэт. — Дии, кыыһа олох красавица. — Били киинэҕэ бииргэ сылдьыбыт кыыһа да? — Аһаа. Ол кыыс — Оодьжэ... Ромааа... мин сүрэхпин алдьаттыҥ же... — Чэ, чээ!... — Рома кыбыстан туран кэллэ. — Эээ.... кыбыстаалла — кыргыттар күлсэ хааллылар. Маша эрэ күлбэтэ... Кафеттан тахсан күҥҥэ сыламныы турда. Аргыый аҕай хаама турара дуу... Оликка 4 чааска кэлээр диэбитэ. Ону-маны саныы-саныы плейерын кулгааҕар иилинэн ырыа истэ-истэ аргыый аҕай дом пионеров диэки хаама турда... Олеся дьиэтин аттыгар скамейкаҕа олордо. Чаас аҥарынан кэлиэхтээх. Сиэбиттэн паспорын иһигэр укта сылдьар фоткатын хостоон көрө олордо. Олесятынаан күүлэйдии сылдьан түспүттэрэ. Оликката наһаа үөрбүт. Киниттэн ордук дьоллоох суох көрүҥнээх. ,,Хаһан да ыытыам суоҕа" — диэбит курдук Романы кууспут. Сүрдээҕин табыллыбыт фотка. Фотоаппараты нуучча оҕонньоругар ,,сфотографируйте, пожалуйста" — диэн биэрбитигэр түһэрэн баран: ,,Вы такие счастливые, дай бог вам счастья" — диэн мичээрдии-мичээрдии фотоаппараты биэрбитэ. — Ромаа, привеет! — Оликкатын үөрбүт саҥата иһилиннэ. — Кэтэспитиҥ ыраатта да? Уол кыыс диэки хайыста. Олеся үөрбүтэ сүрдээх. Түргэнник хааман кэлэн Рома илиититтэн тутта. Рома үөрэн мичээрдээн кэллэ. — Ээ, суох. Бу билигин кэлбитим. — Бу суумкабын дьиэҕэ ууран баран тахсыам сөп... — Аһаа. Кэтэһиэм. Наһаа уһуннук киэргэнимээр дии. Миэхэ син биир кэрэҕин. — Мин түргэнник... — дии-дии дьиэҕэ киирэн хаалла. Рома кэтэһэн олордо. Ити баар. Хайа бааһы түргэнник буолуой... Сиэркилэ иннигэр турара буолуо. Миэхэ үчүгэйдик көстөөрү киэргэнэр дии санаан мичээрдээн ылла. Балайда буолан баран Олеся таҕыста. Маҥан платье кэппит. — ,,Олус да барар" — дии санаата. — Наһаа да красавицаҕын дии... — Рома ис санаатын эппитигэр Олеся кыбыстан саҥата суох умса көрдө да... астыммыта сирэйигэр көстөр. — Я помню чудное мгновение Передо мной явилась ты... Милая моя Олеся Как гений чистой красоты — — Бүт эрэ... — Пааркаҕа барабыт? — Бардыбыт. — Олеся Рома тоһуйбут илиитин тоҥолоҕуттан икки илиитинэн тутуһан хаамтылар. — Миигин кэлбитэ буолуо дии санаабытыҥ? — Санаан буолумуна. Кэлэн олороро буолуо диэн билбитим. Көрөммүн наһаа үөрдүм. — Рома Олеся тылларыттан наһаа үөрэр. — Мин эйигин күүтэрбэр бириэмэ олох тохтоон хаалбыт курдук буолар. Бу баран испэтэ... — Олеся ити тыллары истэн хараҕа үөрүү уотунан умайар. Төбөтүн уол илиитигэр сыһыаран хаамта. — Колесо обозрения олоробут да? — Олоруохха — билет ылан олордулар. Киһи паркаҕа аҕыйах эбит. Сыыйа үөһэ тахсан истилэр. Рома кыыһы кууста. Кыыс уол түөһүгэр сыстан, саҥата суох олордо. — Оликка, мин наһаа дьоллоохпун. — Рома кыыс хараҕын көрбүтүгэр долгуйан хараҕа ууланан кэллэ. — Ытыыгын да? — Эс, тоҕо ытыахпыный — Олеся хараҕын уутун сотунна. — Оччоҕо тоҕо хараҕыҥ уута тахсарый? — Билбэппин — симиктик хардарда уонна хараҕын симтэ. Уол кыыс сирэйин болҕойон көрдө... наһаа да истиҥ, кэрэ кыыс... уостара бөлтөһөн минньигэстэриин... аргыый кыыс уоһун уураан ылла... сып-сымнаҕас, сып-сылаас уостардаах... кыыс аргыый уолу моонньуттан кууста. Рома өссө уураата. Өр уурастылар... обозрение көлүөһэтиттэн тахсан, куустуһан бэстэр быыстарынан барар ыллык устун хааман истилэр. Киһи бүгүн паркаҕа кырдьык аҕыйах эбит... иннэ-манна аҕыйах киһи көстөр. Уоллаах кыыс тыа иһигэр ыга куустаһан турдулар. Олеся төбөтүн уол түөһүгэр ууран, сүрэҕэ тэбэрин истэ турда. Рома кыыс баттаҕар иэдэһин сыһыарда. Бу курдук куустуһан, эттэрин сылааһын холбоон төһө баҕар өр туруох курдуктар. — Эчи хаарыаны... кини буолбут киһи баар ини... — Дьоллоохтор... хаһан биһи инник турабыт ээ... Соһуйан көрө түстүлэр. Аттыларынан спортивнай таҥастаах уонча уол субуруһан сүүрэн ааһан эрэллэр эбит. — Оксии.... инник кыраһыабай кыыһы кууһар дьоллоох да уол ээ... — уолаттар аргыый күлсэ-күлсэ сүүрэ турдулар. Олесялаах Рома бэйэ-бэйэлэрин көрсөн дьоллоохтук мичээрдэһэн ыллылар. — Кырдьык дьоллоохпун... миигиттэн ордук дьоллоох бу сиргэ суох — дии санаата Рома... Киэһэрэн барда. Олеся сотору эдьиийэ дьиэтигэр кэлиэхтээх. — Рома... мин дьиэбэр барыахпын наада. Сотору эдьиийим үлэтиттэн кэлиэ. Ас астаан тоһуйуом этэ. — Бардыбыт, Оликка — уол кыыһы моонньутан уураата. — Оттон мин эдьиийгин көрсөн, билсиһэн барабын дуо? Сотору дойдубар көтөбүн ээ. Билиһиннэриэххин баҕарбаккын? — Билбэтим... эрдэ эбитэ дуу... — Миигиттэн кыбыстаҕын дуо? — Туох диэн эттэххиний? Биллэн турар кыбыстыбаппын. Чэ, бардыбыт. Билиһиннэриэм Уол кыыһы илиититтэн сиэтэн дьиэлэрин диэки хаама турдулар. Олеся дьиэҕэ кэтэр халаатын кэтэн ас буһарда. Аны чаас аҥарын курдугунан эдьиийэ кэлиэхтээх. Астарын буһаран эдьиийдэрин кэтэһэ залга тв көрө олордулар. 9 чаас ааста. — Хайыыбын, барарым дуу... — Рома Олеся диэки көрдө. — Өссө кыратык олоро түһүөххэ. Кэлэр ини... Эмискэ телефон тырылаата. Олеся сүүрэн кэлэн телефону хаба тардан ылла. — Истэбин... Тоҕо? Оо... сөп. Пока эдьиий... сөп. — трубканы уурда. — эдьиийим кэлбэппин диэтэ. Бииргэ үлэлиир подругата ыалдьыбыт үһү. Ону солбуйа хаалбыт. Сарсыарда кэлэр. — Оччоҕо... мин барабын да?... — Рома тураары гынна. Олеся саҥата суох уолга кэллэ. — Барыма... Уол үөрэн кыыс хараҕын утары көрдө... — Кэрэ да кыыскын... үйэм тухары эйигин көрөн баран олоруом этэ... — Рома кыыс хараҕын утары көрөн олорон синньигэс биилиттэн бэйэтигэр ыксары кууста. Олеся эмиэ уол төбөтүн түөһүгэр ыксары кууста. Онтон умса нөрүйэн уол уостарын булла... Рома уураабытынан кыыһы аргыый диваҥҥа сытыарда... уонна үрдүгэр умса нөрүйэн харахтарын утары көрдө... — Оликка... мин эйигин наһаа таптаатым... эн тускар ууга да, уокка да киириэм этэ... — Мин эмиэ эйигин таптыыбын... хайдах эйигин билбэккэ сылдьыбыппыный... Рома өссө имэҥнээхтик кыыһы уураан барда. Онтон илиитин кыыс эмиийигэр уурда... кыыс долгуйан тыына кылгаан... сүрэҕэ күүскэ тэбэрэ иһиллэр... кыыс илиитин уол илиитигэр уурда... — Рома... — кыыс титирэс куолаһа Романы тохтотто... кэтэстэ... кыыс уол илиитин киэр аспата... ол иһин аргыый кыыс эмиийин ыга тутта... кып-кытаанах, хаһан да уол таарыйбатах кэрэ эмиийэ... кыыс өйүгэр билигин туох санаалар киирэллэрэ буолуой... сөпкө гынабын дуо... сыыһа дуу... арай албыннаатын... суох... мин Ромам оннук буолбатах. Миигин таптыыр... мин кинини таптыыбын... хайдах буолабын... сөп дуу... сыыһа дуу... — Рома... — Олеся... мин эйиэхэ куһаҕаны оҥоруом суоҕа сөп... мин ыксаппаппын... бырастыы гын дии... — уол аргыый илиитин арааран олордо. Олеся саҥата суох Романы илиититтэн татта. Рома кыыс хараҕын көрдө. Олеся кыбыстан атын сир диэки хайыста. — Оликка... мин эйигин таптыыбын... — илиитин кыыс халаатын иһигэр уган иһин имэрийдэ. Онтон халаатын тимэхтэрин сүөртэлээн, лифчигын замогун төлөрүппүтүгэр кыыс эмиийдэрэ көстө түстүлэр. — Һыллыы... эн миэхэ эрэнэҕин да? Олеся уол диэки көрдө, моонньуттан кууста: — эрэнэбин — диэн симиктик кулгааҕар сибигинэйдэ. (Убаастабыллаах ааҕааччы, биһиги бу моментан, кыыстаах уол симик тапталларын кэтиирбитин тохтотуохха дии... бэйэлэрэ билэллэринэн таптастыннар...) Рома уһуктан кэлбитэ Олеся кини илиитигэр төбөтүн ууран, илиитинэн кууһан баран утуйа сытар. Рома сүрэҕэ эмиэ үөрүүнэн туолла. Бачча кыраһыабай кыыс киниэхэ эрэнэн, таптаан саамай күндүтүн — туҥуй тапталын бэлэхтээтэ. — Рома... ыалдьар дии... — диэбит минньигэс саҥата кулгааҕар иһиллэр... Уол кыыс сирэйин имэрийэ одуулуу сытта. Олеся ону билбит курдук уһуктан кэллэ. Харахтара көрсө түстүлэр. Истиҥник мичээрдэстилэр. — Привеет... — Дорообо, Һыллыы. Хайдах утуйдуҥ? — наһаа үчүгээй... — Мин эйигин олус таптыыбын... хаһан да эйигин быраҕыам суоҕа сөп? — Мин эмиэ наһаа таптыыбыын... тохтоо... — Олеся пледы эриммитинэн туран полкаҕа турар Рома бэлэхтээбит лилиятын ылла уонна икки илиитигэр утары туппутунан Романы утары тобуктаан олордо. — Рома, мин илиибин тут. — Тугуй бу? — Тут. — Тыый... киинэ курдук андаҕайабыт да? — Күлүмэ!... мин серьезно буолуон баҕарабын... — Ээ, суох Һыллыы... күлбэппин... Рома кыыс илиитин туппутугар Олеся оргууй саҥаран барда: — Рома, мин эйигин таптыыбын уонна мэлдьи аттыгар буолуом... — Оликка, мин эмиэ эйигин күүскэ да күүскэ таптыыбын уонна хаһан да эйигин быраҕыам суоҕа... — Олеся пледа өһүллэн — тэрэччи тэбэ сылдьар, мрамортан улуу уус чочуйан оҥорбутун курдук кэрэ эмиийдэрэ көстөн кэллилэр. — Ой! — Кыыс соһуйан пледынан түөһүн саба тутта. Рома кыыһы кууһан диваҥҥа сытыарда уонна имэҥнээхтик уураспытынан бардылар... ыһыллыбыт бырастыынаҕа бөлүүн — таптаһар туҥуй сүрэхтэр холбоспут кыһыл бэлиэлэрэ көстөн ааста...

Рома Андрейдаахха сарсыарда кэлбитэ. Маша утуйбатах көрүҥнээх кухняҕа олорор эбит. — Хайа, Машуля хайдах буоллуҥ? На тебе лица нет — уол кыыс сирэйин соһуйбуттуу көрөн турда. — Ээ, суох. Бэйэм. Кыратык төбөм ыалдьар. Эн хантан кэллиҥ? — Ыалга сырыттым. Хараҕыҥ дэлби испит дии. Заплаканные какие-то... — Киниэхэ хоннуҥ да? — Ты это о ком? — Билэҕин... кими этэрбин... — Эс... — Мин эйигин таптыыбын дии. Хайдах өйдөөбөккүн?! — Как... таптыыбын... эн мин доҕорум буоллаҕыҥ дии... — Кыра эрдэхпиттэн... ыт оҕотун курдук батыһа сылдьабын дии. — Эйигин мин родная сестра курдук көрөбүн... — Кыыс буолбатахпын дуо? — Как это кыыс буолбатахпын... кыыскын конечно... — Маша остуолга умса түһэн ытаан барда. Рома соһуйан саҥатыттан матта. — Ытаама даа... Машуля... — кыыс төбөтүн саҥата суох имэрийдэ. Хайдах уоскутуон билбэккэ турда. Маша эппитэ төбөтүгэр баппат. Хайдах ол доҕорун таптыай? Ол туһунан олох да өйүгэр оҕустарбатаҕа. Машаны кыра эрдэҕиттэн көрөр, бииргэ оонньуур буолан кыыс курдук көрбөт... вернее атын кыргыттар курдук буолбахха балтын курдук көрөр. Балтын хайдах таптыаҕай? Балта кинини атыннык көрөрө буолуо диэн санаан да көрбөтөҕө. Машулятын ытаппытыттан сүрдээҕин санаата түстэ. Хайдах гынан уоскутар? Аны Андрей чугас доҕоро... быраата да диэххэ сөп. Уонна хайдах таптаһа сылдьыай. Туох диэҕин, хайдах уоскутуон билбэккэ саҥата суох дьиэттэн тахсан барда. Маша оронугар ытыы сытар. Аттыгар Ромалыын түспүт хаартыскалара ыһылла сыталлар. Үһүөн бииргэ улааппыт, доҕордуу буолан бииргэ төрөөбүттэр курдук сылдьаллар. Бу дьиэҕэ үһүөн олорбуттара сыл буолла. Бэйэлэрэ оҕо эрдэхтэриттэн хаартыскаҕа түһэрииннэн дьарыктаналлар.. Фэд фотоаппаратынан түһэрэ-түһэрэ бэйэлэрэ бэчээттииллэр. Бу Андрейдыын Рома айылҕаҕа түспүттэр. Бу Маша хоһугар (саҥа дьыл саҕана эбит. Елка көстөр) Рома шортиктаах эрэ Машаны кэнниттэн кууһан түспүт. Иккиэн үөрбүттэр аҕай. Билбэт киһи — кэргэнниилэр диэх курдук. Ини көрө-көрө Маша уйа-хайа суох ытыыр. 7) — Ромбеек! — эргиллэн көрбүтэ Санька сүүрэн иһэр эбит. — Һуу, хата буллум дии. — Сирэйэ-хараҕа турбута сүр. — Хайа да, хайдах буолан как угорелый несёшься? — Бэҕэһээ покровскайтан кэлэн иһэн массыынаны кытта харсыстым. — умса туттан, тобуктарыттан тайанан туран аҕылыы-аҕылыы саҥарда. — Бэйэм да хайдах аралдьыйаалтым буолла. Иномарка ээ да. Пиз..ц пресстээтилэр. На пять кусков ыйаатылар. Баар гымматаххына сиртэн сүтэрэн кэбиһиэм диир. Ол киһи. Бүгүн киэһэ күөх хонууга стрелка аста. Паспорбын, водительскайбын былдьаан ылла. — Эн буруйдааххын да? — Мин. — Па... тогда терпи брат... оҥорбуккар эппиэттиир буоллаҕыҥ дии... хайдах быыһаан ылыахпытый... көрдьүүр харчытын биэриэххэ наада. — Жигули массыына сыанатын аҥара дии. Мин иччэ элбэҕи бүгүн хайдах да булбаппын. Даже эһиги да көмөлөстөххүтүнэ. — Ким диэн киһиний? — Аа... Юрасикпын диир. Миигин бары билэллэр дии-дии түөһүн тоҥсунар. Эн кимҥиний?! — диир. — Харчы хомуйуохха наада — Бл.....ть... как так-то а... на такие бабки попасть... — Саня төбөтүн хам туттубутунан умса туттан олордо. — Чэ, да... истерикалаан дело не исправишь. Как ни крути харчы булуохха наада... мин дьоммуттан, табаарыстарбыттан көрдьүөм. Бэйэбэр аҕыйах баар... эн Андрейы бул. Дьиэҕэр тиийиэм. Киэһэ Андрейы ылан үһүөн күөх хонууга бардылар. Холбоон 2 тыһынчаны эрэ хомуйдулар. Хайдах, тугу кэпсэтиэхтэрин билбэттэр. Обычно бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта конфликка син быһаарсааччылар. Үксүн Рома саҥарааччы. Хаһан да үөхсүбэт, ыгылыйбат. Ырааҕынан толкуйдуур буолан кини этэрэ сөп буолааччы. Уонна иэһэ суох буолан кырдьыгын дакаастаан тэйээччи. Оттон бу түбэлтэҕэ Саня буруйдаах... анараа киһитэ Саня этэринэн хабарҕатынан тыыммыт киһи быһылаах. Чэ, көстөн иһиэ. — Оол тураллар. — Если что... Андрей бэлэм буолаар... этэҥҥэ биир тылы булар инибит. — Базара нет, братан... Фургон уазик аттыгар 4 киһи табахтыы тураллар. Икки киһитэ саастаах, иккитэ спортивнай көрүҥнээх бэйэлэрин саастыыта уолаттар эбит. Уолаттар саҥата суох тиийэн кэллилэр. — Харчыгын аҕаллыҥ дуо?! — үскэл соҕус киһи көбүөлээн киирэн барда. — Убайдар, төһө кыалларынан харчыны мустубут. Сороҕун бу күннэргэ аҕалар кыахтаахпыт. Почтанан переводтуохтарын наада. Бүгүн кыаллыбата. — Рома ыксаабакка этиэхтээҕин эттэ. — Эн кимҥиний б.я? Эйигин кытта кэпсэтэбин дуо?! Сүтэн хаал! — Саня диэки хайыһан — эппит харчыбын мустуҥ дуо? Муспатах буоллаххына икки төгүл төлүүгүн. Мин эйигин сэрэппитим. Илии баттаа манна! — Саняны уолугуттан ылан массыына капотугар тиэрэ анньан хабарҕатыгар быһаҕы тирээтэ. Андрей уһуну киэҥи толкуйдаабакка Юраны биир охсуунан дөйүтэн түһэрдэ. Рома соһуйан хаалла... хайыыр да кыах суох... — аттыгар турааччыны охсон түһэрдэ. Саня босхо баран туораан биэрдэ. Массыына иһиттэн маатара-куутара буолан эбии дьоннор ыстаҥалаһан тахсан саба түһэн охсуспутунан бардылар. Уолаттар чугуйа сылдьан охсуһаллар. Элбэхтэрэ бэрт. Охсуһа-охсуһа куорат диэки чугуйан истилэр. — Б.я! Лучше вешайтесь! Ханна да саһыҥ син биир булуом! — Юра хаһыытыыра иһилиннэ. Уолаттар мүччү туттаран куотан хааллылар. — Серый! Уолаттары барыларын мус! Булуҥ үһүөннэрин! — Юра дьаһайара иһиллэр. Дьиэлэр быыстарынан куотан, тэйэн баран тохтоотулар. — Хайа, хайдаххытый? Ким да бааһырбата дуо? — Рома таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ ыйытта. — Суох. — Дьэ хайдах буолабыт? Дьиэлиир кыах суох буолла. — Куорат таһыгар пригаситься надо — Саня аҕылыы-аҕылыы саҥарда. — Ну и? Төһө өр ол гасись буолабыт? — Андрей кыйаханан саҥарда. — Саня сөпкө этэр. Куораттан тахсыахха наада. А там видно будет.

Ромалаах куораттан тахсыбыттара хас да хонно. Табаарыстарын телефонуттан Машаҕа эрийэн: — хас да хонукка суох буолабыт — диэн Андрей сэрэппитэ. Маша этэринэн кинилэри ,,хайа эрэ дьоннор" көрдьүүллэр үһү. — Туох буолла? — диэбитин — табаарыспытыгар сылдьабыт — диэн кэбиспитэ. Рома Олесяҕа хаста да эрийэ сылдьыбыта. Бастаан эрийэригэр Оликката ылбыта. Только саҥата суох ытаан, ытаан баран трубканы ууран кэбиспитэ. Рома туох буоллуҥ? — диирин саҥарбат... хаста да эрийбитин ылбатаҕа. Аны — или телефону ким да ылбат, или наар телефону эдьиийэ ылар. ,,Олеся суох" диэнтэн атыны билбэт. Телефоннара определителлээх. Ол иһин ылбат дуу... диэҕэр дылы... Уолаттар хайдах бу дьыалаттан этэҥҥэ тахсалларын тобула сатаатылар да кыаллыбат. — Андрей! Нахрена эн кинини оҕустуҥ?! — Хайыахтаах этибиний, эйигин гаси гынарын көрүөхтээх этим дуо? — Хайдах гаси гыныай? Куттаан баран тохтуо этэ... — Да ну тебя... терпила буолбатахпын... — Оччоҕо мин терпилабын дуо?! Көрөҕүн? Под какой замес мы попали?! Эн охсуо суохтаах этиҥ, Ромбек кэпсэтиэ этэ. Саатар иногда голову включи! — Акаарыгын что-ли? Уже харчыга ыйыырдыы оҥостон кэлбиттэр дии! Или 10 тыһынча иэстээхпин диэн эн суруйбутуҥ дуу? Ты думай сперва... а потом предьявалаа! — Андрей кыыһыран биир сири көрөн баран буугунуу олордо — Голову включи... — Бүтүҥ уолаттар... аны кэлэн ытырсан туһа суох. Дьыаланы оҥордуҥ? — оҥордуҥ... ну, и всё... хаһан да кэмсиммэт баҕайыта... Дойдубар убайым табаарыһа баар. Ваняны бэккэ убаастыыр этэ. Кинини кытта кэпсэтэ сылдьарым дуу. Рома ыал телефонуттан убайын бокуонньук табаарыһыгар эрийдэ. Влад суох буолан биэрдэ. Балыктыы барбыт үһү. Кэргэнэ: ,,сарсын-өйүүн кэлэр ини" — диир. Олеся телефоҥҥа кэлбэт. Ыллаҕына да эдьиийэ ылар. — Б.яаа... хайдах эрэ бу передрягаттан тахсарбыт буоллар... — Саня төбөтүн кууһан баран сытар. — Саня, если эн не можешь контролировать ситуацию — айманан-истерикалаан туһа суох... просто живи брат. — Бары эн курдук спокойны как удав буолбатахпыт, Ромбек... — Ээ, чэ оччоҕо даваай, истерикалаа... — Билигин дойдубутугар эбиппит буоллар балыктыы, кустуу сылдьар буолуо этибит ээ, Ромбек... саатар кыратык индигирим уутугар умсубут, индигирим балыгын сиэбит киһии... — Сотору онно тиийдэхпинэ за тебя балык бөҕөтүн сиэҕим, Андрей. — Мотуорунан сүүрдэ сылдьан кустуур үчүгэй да буолааччы... куста ыытаар эрэ. Машуля куһун ахтан буорайда. — Ыытан бөҕө дии. Базара нет. Өйүүҥҥүтүгэр эрийбитэ Влад хата кэлбит эбит. — Убай дорообо. Ваня быраата Ромабын — Аа, эҕэрдэ быраат. Тугу кэпсээтиҥ? — Соччо суох. Били бүтэһик көрсөрбөр туохха эмит наадыйдаххына биллээр диэбиккиттэн бу эрийдим. — Тугуй, кыһалҕаҕа ыллардыҥ дуо? — Аа... оттон... (барытын кэпсээтэ) — Даа... быраат... куорат кыра...билэбин ол киһини. Убайыҥ Вано эппиэт киһи этэ... миигин биир дьыалаҕа улаханнык көтөхпүтэ. Эн киниэхэ сүрдээҕин маарынныыгын. Эйигин көрдөхпүнэ Ванону саныыбын. Дааа... Чэ короче... кини быраата буоларгынан ити боппуруоһу хачайдаһыам... разрулю как нибудь... Бэйэтэ эмиэ наһаалаабыт. Эһиги аккаастаабатах, саспатах буоллаххыт дии. Охсуһуо суох этигит. Кэпсэтиэм. Арба олох да умнан баран сылдьабын. Ол киһи миэхэ эмиэ иэстээх этэ дии. Доҕотторбун подключайдыам... — Оччоҕо сарсын эрийэ сылдьабын дуо? — Ну... если тебе интересно — звякни как нибудь. — Махтал убай! — Чэ, давваай быраат. — Пока убай. — Хайа? Туох диэтэ? — Нормуль, братан! Не вешай нос! Скоро по домам тарҕаһыахпыт! Аҕыйах күн күүтэбит. Сразу Олесяҕа эрийдэ: — Дорооболоруҥ, Олесю можно? — Рома, аны эрийимэ. Олесяны жениҕа дойдутугар илдьэ барбыта. Рома соһуйан саҥата суох олордо. Трубканы уурда. ,,Эс. Эдьиийэ албынныыр ини. Оликка миигин ис сүрэҕиттэн таптыыр. Ону билэбин. Хайдах оннук буолуой? Арай кырдьык дойдутугар уоллаах буоллун? Баар буолуон сөп ээ. Ол да иһин бастаан билсэллэригэр: — ухажердааххын дуо? — диэбитигэр сүгүн эппиэттээбэтэҕэ..." Уол харааччы буккуллан, биир сири көрөн баран олордо... 9) Рома ааспыт олоҕун санаан үөһэ тыынна. Оликкатын ол кэнниттэн көрсүбэтэҕэ. Андрей этэринэн оҕолоох, кэргэннээх үһү. Тоҕо бырахпыта буолуой — диэн өрүү саныыр. Уоллаах эрээри тоҕо миигин кытта сырытта? Кыыһын миэхэ бэлэхтээбитэй? Тоҕо?... бу боппуруоска аны эппиэти булбата буолуо... Таак ватсапка туох сонун баарый? Группалары арыйталаан көрүтэлээтэ. Уоллаах кийиитэ ону-маны сонуннарын суруйбуттар... Аймахтарга эмиэ сонуннарын суруйбуттар. Бу? Ким эрэ билбэт группатыгар киллэрбит. Однополчанина киллэрбит эбит. Дорооболосто. Саҥа киһини ыйытыы бөҕө буоллулар. Кыратык бэйэтин билиһиннэрдэ. Аатын, суолун, семьятын... Сүрдээх бэһиэлэй группа эбит. Кэпсэппитинэн барда. Сотору-сотору күллэртээн, кэпсээннэрин суруйан ,,член семьи'' буола түстэ. Бары ааттара көстө сылдьаллар. Арай үс кыыс ааттара көстүбэт. Сибэкки авалаахтар. Үһүөн биир сиртэн сылдьаллар. Бииргэ бырааһынньыктыыллар, көрсүһэллэр. Ааттара биллибэт. Арай биирдэ биир кыыс фото ыытта. Дискотекалыы сылдьабыт диэбит. Рома фотоны загрузкалаан көрө олордо. Үһүөн үөрбүттэр аҕай. Онтон эмискэ сүрэҕэ тохтуу сыста, хараҕа ууланна... хайдах хайдаҕый? Ортоку үөрбүт кыыс — кини Оликката турар. Чахчы кини! Син биир уруккутун курдук кэрэ, саас баттаабатах, соннук же боччумнук көрбүт хараҕа, минньигэс уостара... наһаа да ахтыбыт эбиит, бу харахтары, бу оҕолуу нарын сирэйи... Үс сибэкки авалаах кыргыттартан хайалара буоллаҕай? Миигин биллэҕэ дии. Аатын, фототын бастаан билсэллэригэр көрдөрбүтэ. Группаҕа Олесяны билбитин суруйаары гынан баран тохтоото. Баҕар сөбүлүө суоҕа. Оччоҕо? ,,Арба бэйэтин билиһиннэрбитигэр реакцияларын көрүөххэ наада" диэн санаата. Ырыппыттар да ордук бу — кини диэн билбэтэ. Только суруйалларыттан наар Лилия сибэккилээх кыыс киниэхэ чугастык кэпсэтээччи. Точно! Лилия! Рома Олесятын кытта андаҕайбыттарын санаан кэллэ. Кини буолуо дуо? Буолуон сөп. Хайалара да бэйэлэрин туһунан наһаа кэпсээбэттэр. Ээ, ***! Киһи аатын билэр проще простого буоллаҕа дии! Главнайа бу номерыгар привязаннай карталаах буолуон наада. Хайдах сразу өйдөөбөтөҕүттэн сонньуйда. Мобильнай перевод оҥоруохха наада! 900-кэ перевод диэн баран лилия авалаах кыыс номерын суруйан харчы суумматын суруйда. Отправить... если привязаннай карталаах буоллаҕына аата көстүөхтээх. Точно! Олеся Викторовна В. диэн эбит. Личкатыгар суруйуохха. — Оликка, бу эн дии... Отправить... Прочитано... — Мин, биллиҥ дии... — Билэн... көрөн баран сүрэҕим тохтуу сыста. — Мин эмиэ эйигин билэн баран үөрбүтүм. Олоҕуҥ этэҥҥэ эбит. Марияны кытта холбоспотоххун дии. — Причем тут Мария?. Тоҕо миигин быраҕан барбыккыный? Прочитано.. Эппиэт суох... — Һыллыы, эппиэттээриий... мин олоҕум тухары бу боппуруоһу биэрэбин... тоҕо миигин бырахтыҥ? — Мариялыын олорон миигин кытта сылдьыбыт дии санаабытым. Олус хомойбутум. Онтон Андрей быһаарбыта да... уже поздно этэ. — Машуля?! — Да, Машуля Рома өйдөөбөтө... причем тут... блиииин... Машуля... Рома дьэ өйдөөн кэллэ... ытыы олорор Машулята... — Хайдах кини тылын итэҕэйэ оҕустуҥ? Тоҕо миигин кытта кэпсэппэтэххиний? — Бииргэ түспүт фотоларгытын көрдөрбүтэ. Семьябыт, беременнэйбин диэбитэ. Онно наһаа хомойбутум. Кэргэннээх эрээри миигин кытта сылдьыбыт диэн... Блииин... Машка, Машка... доҕорум диэн истиҥник санаан хаартыска бөҕөтүн түһэллэр этэ... онтуката инник буолан таҕыста... — Оччоҕо тоҕо эдьиийиҥ жениҕа илдьэ барда диэбитэй? — Билбэппин. Эйигин тэйитээри буолуо. — Оччоҕо жених диэн миф эбит. Миигин таптыыр этиҥ. Мин билэбин... Аҥардас Машка этэринэн арахсыбыппыт дуо? Прочитано... Онлайн... Эппиэт суох... — Һыллыы, ытыы олороҕун дии... — Ыйытыма... онто суох ыарахан... — Төһөлөөх аймаммытым, төһөлөөх харах уутун тохпутум буолуой... ол барыта Машаттан? — Мин эмиэ хараҕым куурбат этэ. Саатар эн ханна баран хаалбыккыный? Маша: — аны эйиэхэ кэлбэт — диэбитэ. — Таптыыра буоллар кэлбит буолуо этэ. Кэллэ дуо, эйиэхэ, суох дии. Дьиэтигэр олорор, эйиэхэ эрэ наадыйбат — диэбитэ. Итэҕэйдэҕим дии. Кэнники Андрей эйигин буруйа суох, эйигин олус таптыыр этэ диэбитигэр — олох олоруо санаам кэлбэт буолбута. Дьолбун мүччү туппуппуттан наһаа кэмсиммитим. ,,Этиим Ромаҕа" — диэбитин — аймаама. Кэргэннээх диигин дии — диэбитим. Телефоннуургар кэпсэппитим буоллар син быһаарсыа этибит. Ону саҥарбатаҕым. Хомойбутум бэт этэ... Саатар бэйэҥ кэлэ сылдьыбытыҥ буоллар... сирэй көрсөн кэпсэппиппит буоллар... олоҕум олох атыннык барыа этэ... увы... дьоло суох эбиппин... — Оннук... бэйэм сирэй көрсөн кэпсэппитим буоллар... олус да соһуйбутуум... эн биһиккиттэн дьоллоох суох этэ дии... итэҕэйбэккэ дьиэҕэр баран кэтээн олорбутум. Баҕар баара буолуо диэн... онтон дойдулаатаҕым дии... — Рома, Рома... мин тапталым... олус да элбэх харах уута тохтубута... — Арба аваҥ лилия сибэкки эбит дии. Случайно буолбатах дии саныыбын. — Оликка? Тугуй бу? Фото кэллэ... лилия... мин бэлэхтээбит лилиям... — Илдьэ сылдьаҕын дуо? — Өрүү сүрэхпэр илдьэ сылдьабын. — Кэргэниҥ соторутааҕыта суох буолбут. Помню. Эппитиҥ. Оҕолордооххун... Якутскайга бааргын. Мин якутскайга тиийиэм. Көрсөбүт дуо? Прочитано...
Онлайн...
Эппиэт суох...
Бүттэ...

Дьоллоох 70 1 января 2020
Бу автор кэргэнэ суруйан эрэбин. Мин олохпун сиргэ буорга тэбистин дии. Аны эйиигин кытта олорбоппун, хомойдум, кэлэйдим. Эн эгоист эбиккин, бэйэн оҕолорун, сиэннэргин дьоло суох хааллардын. Ити дьахтаргар бар дьоллоо, айа миигин ытатыма, сордоомо, эйиигинэ суох олороо инибин. Вераҕын дуу , Ольгаҕын дуу, дьоллоо. Бу сааскыттан миигин эрэйдиигин, охсоҕун , эн тапталын миэхэ өлбүтэ. Бу кэпсээҥҥэ тоҕо миигин кыбыттын , пааркаҕа турарбытын, куорат устун хаамсарбытын, наһаа пааралар диэбиттэрин, түөспүн ойуулаабыккын, сиэркилэҕэ көрүнэрбин. Чэ ити хааллын. Сыл ахсын дьахтарын уларыйан иһэрин билэбин, бэйэн кэпсээҥҥиттэн. Нам дьахтара биэс оҕолоох Оленькаҕар сообщениялаах харчынан көмөлөспүккүн кытары билэбин. Хаартыскатын любимая диэҥҥэ кистии сылдьаргын эмиэ билэбин. Дьон миигин баалааман, бу ытыы олорон суруйдум, бырастыы гынын. Олоҕум ыарахан. Улахан айдаан кэнниттэн суруйбат ини.

Добавить комментарий