Иэйэхситим
Главная / Кэпсээннэр / Иэйэхситим
Иэйэхситим 2
Сулус уола - 1 декабря 2014 18:43
Бу сырыыга эбээм уонна мин туспунан итирик о5онньор тугу кэпсээбитин суруйуом.
Иэйэхситим туһунан кэпсээни суруйбутум кэнниттэн мунньулла сылдьыбыт санаам чэпчээбиккэ дылы буолбута,ол эрээри дойдубун ахтарым олус күүһүрэн кэлбитэ.Бу сыллар тухары айыл5а5а сылдьан дуоhуйа балыктыырбын,бултуурбун олуhун да5аны суохтаабыт эбиппин.Сулусчаана миэхэ көстүбэт буолуо5уттан ыла дойдубар биирдэ да5аны бара сылдьыбата5ым.Ол аата сүүрбэ икки сыл буолан баран дойдулаах эбиппин санаан кэлбиппин.Киһи сааһыран истэ5ин аайы төрөөбүт сирэ-буора тардара күүһүрэр дииллэрэ чахчы буолла5а дуу.Мин тулуйа сатаан баран,ахтыым күүһэ баһыйан,бу күһүн балыктыы-бултуу диэн ааттаан дойдубар баран кэлэргэ санаммытым. Саҥа илим,балыктыыр тэрил арааһын атыылаһан,айанныырга бэлэмнэммитим.Урут,о5о эрдэхпиттэн, сайын аайы таайбынаан балыктыыр сирбитигэр тиийэн,хоно-өрүү сытан, ахтыл5аммын таһаарар ба5алаа5ым.Хата убайым ол сиргэ мотуордаах тыытынан илдьэн биэриэх,онтон кэлэн ылыах буолан өлгөмнүк сөбүлэспитэ.Бэйэм аныгы мотуордары билбэт буолла5ым уонна ыыппата5ым ыраатан куттанабын да5аны.Дьэ ол курдук хомунан-тэринэн дойдум диэки айанныы турбутум.Уhун айаҥҥа үөрэммэтэх буоламмын этим-сииним дэлби көһүйэн,сылайан хаалбытым.Ол эрээри дойдубар чугаhаан истэ5им аайы долгуйарым күүһүрэн,туох эрэ дьикти иэйии баhыйан,инним диэки дьулуруйан испитим.Бу диэн кырдьыгынан эттэххэ,эдэр сааспын санатан,ба5ар Сулусчаана тиийэн кэлиэ диэн кистэлэҥ санаалаах этим.Кыратык да буоллар,испэр эрэл кыыма умайара. Сулусчаана миэхэ көстүбэт буолуо5уттан ыла,мин оло5ум маҥнай утаа холоруктуу ытыллыбыта.Ийэлээх,а5ам утуу-субуу бу олохтон туораабыттара,онтон быраатым,муус чэгиэн киhи, эмискэ сүрэ5э тохтоон быстыбыта.Ол кэннэ оло5ум аргыhа,Валям, суорума суолламмыта.Дьиктитэ диэн баар,бу түгэннэр барыта үс эрэ сыл иhигэр буолбуттара. Уоллаах кыыспын кытта турар бэйэм эрэ хаалбыппыт. Олох охсуутун тулуйбакка кылгас кэмнэ арыгынан утахтанар да буола сылдьыбыттаахпын мэлдьэспэппин.Ол са5ана ойууннары,экстрасеныстары соччо итэ5эйбэтэрбин да5аны,биир биллэр күүстээх ойуунна тиийэн ал5аппытым.Ба5ар ол көмөлөспүтэ эбитэ дуу,оло5ум сыыйа-баайы көнөн, дьон тэнинэн син этэннэ сылдьабын. Дойдубар тиийэн,убайым аахха түспүтүм.Сарсыарда эрдэ туран аналлаах сирбэр барыам диэн, эрдэттэн малбын-салбын хомунан бэлэмнэммитим.Сирбин-дойдубун аһатарга арыгы ылбатахпын өйдөөн,ма5аһыыҥҥа тэбиммитим.Арыгы ма5аһыын аайы атыыланар буолбут эбит да,мин өйдүүрдүү тэйиччи ба5айы,былыр үйэтээ5и арыгы ма5аһыыныгар тиийэн хаалбытым.Ма5аһыын иннигэр итирик-холуочук бөҕө то5уоруспутун сөҕө көрбүтүм.Урут Сэбиэскэй кэм са5ана үүт-үкчү маннык буолааччы.Арыгы атыылаһан тахсыбыт киһини кэнниттэн сырсааччы,харчы умналаһааччы тобус толору буолааччы.Билигин да5аны туох да уларыйбатах эбит. Ма5аһыыҥҥа киирэн эрдэхпинэ эмискэ биир киһи харыбыттан харбаан ылан соһуппута.Эргиллэ биэрбитим,олох сааһырбыт,үп-үрүҥ баттахтаах о5онньор эбит. -Быраат,абыраа даа,көрдөһөбүн абыраа...Бытархайда кутан биэриий,төһө баарынан.Сүрэ5им тохтоору гынна,абырах наада,-диэн олох ыытар санаата суох харыбын ыбылы тутан кэбиспитэ.Кырдьа5ас киһи диэтэххэ эчи күүһэ диибин диэн.Өссө эдэр киһилии бэгэччэгэр татуировкалаах буола-буола.Сиэппэр а5ыйах бытархайдаахпын кутан биэрбитим уонна ма5аһыыҥҥа киирэн хаалбытым.Ма5аһыын иһигэр биир да5аны киһи суо5а,бары таһыгар үллэҥнэһэ сылдьаллар эбит.Арыгыбын атыылаһа туран ити о5онньор татуировкатын санаан кэлбитим.Ханна,хаһан көрдүм этэй?Олуона ба5айытык күн тахсан эрэрэ уруһуйдаммыт,туора-маары буукубаларынан"ЗабВО"диэн суруктаах.Төбөбөр бу баар эрээри сатаан өйдөөбөтөҕүм.Тахсан иһэн көрбүтүм о5онньорбун уолаттар тутан,уолуктуу а5ай тураллар эбит.О5онньор эдэр дьонтон олох хаалсыбат,тэбис тэҥҥэ хадьымахтаһар.Ол быыһыгар то5ус этээстээх маатыранан тыбыырар.Дьэ онно өйдүү түспүтүм,били эбээбин тиһэх суолугар атаарарбытыгар,холуочуйан баран,буолары буолбаты лахсыйбыт Ыстапаан диэн ааттаах киhи эбитин.Хайыахпыный,төһөтүн да иһин онон-манан да буоллар син билэр киһим буолла5а.Быра5ан,баран хаалыам дуо,көмүскэһэрбэр тиийдэ5им дии. -Ээ,уолаттар тохтоон эрэ,кырдьа5ас киһини тыытыман,ыытын…-диэн өрүһүйээри чугаһаан кэлбитим,о5онньорум түҥнэри хайыһан кэбиспитэ: -Уолаттар... уолаттар,бу киһи харчыта буолунай,сибилигин арыгы ылан та5ыста.Хата кинини халаан,-диэн миигин ыйан биэрээччи буолбута. Сирэйдэрэ,харахтара турбут уолаттар сиэх-аһыах курдук туттаннар,миэхэ утары хааман кэлбиттэрин,кырбаныахтаа5ар кырбаабыт быдан ордук диэт,кырбанарбын кэтэһэ турбакка,инники иһэр уолу урутаан охсон түһэрбитим,уол тиэрэ баран түспүтэ. -Дьэ эрэ,кэлин эрэ,-дии-дии уолаттарга утары кимэн киирээччи буолбутум. Уолаттар толлон: -Убаай,уоскуй-уоскуй,-дэһэ-дэһэ чугуруҥнаһан барбыттара.Онтон охтубут уолларын туруоран тэскилээбиттэрэ. Мин о5онньорго ыган кэлбитим: -Быраат,эн кыайаргын билбитим ол иһин соруйан гыммытым...Бука диэн охсума,ааттаhабын-көрдөһөбүн-дии-дии ньакыйан барбыта. -Дорообо Ыстапаан,тур бардыбыт. -Бу дьолбун,хата билэр киһим эбиккин дуу.Ол аата кырбаммат буолла5ым,-Ыстапаан ойон туран сирэйбин-харахпын одууласпыта: -Пахай олох да билбэт киhим эбиккин буолба-ат. Билбэт киhим диэтэр да,аргыстаһан баран иһэн, айа5а олох хам буолбата5а. -Ити уолаттарга иэс бөҕөҕө киирэн сылдьабын,ээ кинилэргэ эрэ буолуо дуо,киhи аайы иэстээхпин...Олох сүгүн олордоллорун аастылар...Быраат арыгыгын ханна баран иһэбит.Мааныгыттан көрдөххө куорат киһитэ быhыылааххын.Түһэр сирэ суох буоллаххына миэхэ бардыбыт.Мин дьиэлээх-уоттаах о5онньорбун. Кырдьык да,кинини кытта барсан,итиригинэн туһанан,эбээм туһунан ыйыталаhан сиһилии билбит киһи,диэн санаа эмискэ көтөн түспүтэ. -Чэ,барыах.
-Дьэ,күндү ыалдьытым киир,аас,-диэн Ыстапаан дьиэтин аанын тэлэччи аһан биэрбитэ.-Бу ат эккирэтэр дьиэ5э собус-со5ото5ун олоробун.Биэс о5олоо5ум тухары,биир да о5ом кэлэ сылдьыбат,бары куоракка дьоло түһэн олороллор. Кырдьык,дьиэтэ киэҥэ-куоҥа сөхтөрбүтэ.Бачча киэҥ дьиэни хайдах со5отох бэйэтэ көрөн-истэн олороро эбитэ буолла.Эчи чөкөтө,ырааһа диибин диэн,барыта орун оннугар.Арыгылыырын быыһыгар сууйа-сото сылдьар буолла5а дуу...Санаабын таайбыт курдук: -Ээ,быраат,мин арыгыны сыл ата5ар-баһыгар эрэ иһэбин.Ол эрээри истэхпинэ ыйы ыйдаан үргүлдьү бара турабын,сатаан тохтуур диэн кэлиэ дуо,суох буолла5а дии. Ыстапаан айа5а хам буолбакка сылдьан остуолун тардан кэбиспитэ.Арыгыбын тутан олордохпуна,ыйыппакка да5аны сулбу тардан ылан,тииһинэн эрийэ баттаан арыйбыта уонна үрүүмкэлэргэ толору кутаттаат да,өрүһүспүттүү биир тыла суох,кэтэрдэн кэбиспитэ.Онтон дьэ,өрө тыынан баран,туоһун этээччи буолбута: -Чэ,билсиһиинэн.Хантан төрүттээх,туох удьуордаах,ким диэн ааттаах киһи буола5ын?Ол быыһыгар арыгытын иккистээн толору куттан иһэн эрдэ5инэ: -Балбаара эмээхсин сиэнэ,Айаал диэн буолабын. Киһим соһуйан,иһэн испит арыгытыгар чачайан,төптөрү тыбыыран кэбиспитэ.Сөтөллө-сөтөллө уун-утары харахпын көрбүтэ.Онтон үрүүмкэтин төптөрү остуолга туруорбута уонна хам баттаппыт курдук саҥалыын-иҥэлиин уларыйан ньакыс гынан хаалбыта. -О5ом кэлэн олорор эбиккин дуу? Хайдах хара маҥнайгыттан билбэтэ5им эбитэ буолла?Дьэ буолар да эбит.Ол аата кэмим кэлбит буолла5а... Мин туох кэмэ кэлбитин өйдөөбөтөрбүн да5аны үлүбээй ыйытааччы буолбутум: -Ол то5о эн о5он буолан хааллым? Туhунан ийэлээх,а5алаах курдук этим дии,-диэн мичиҥнээбитим.Онтукабыттан бэйэм кыбыстан туох диэхпин булбакка,о5онньорбун хайдах уоскутуохпун билбэккэ чолоччу көрөн олорон хаалбытым. -Чэ,үөдэн сиэтин.Бачча сааспар диэри кимиэхэ да5аны быктарбакка сылдьыбыппын эйиэхэ кэпсиим эрэ .О5онньор хара5ын уота умаллан,чочумча саҥата суох олоро түһэн баран кэпсээнин саҥалаабыта.Хата көрдөһүннэрэ барбакка,бэйэтэ кэпсээн барбытыттан,мин үөрбүтүм эрэ. Ыстапаан утаа тугу эрэ ыраа5ы-киэни толкуйдуурдуу,биир сири тобулу керен олорбута.Онтон дьэ тебетун ере кете5ен...
Мин ийэлээх,а5ам үрдүк сололоох хоммунньуус баартыйатын үлэһиттэрэ этилэр.Бу дойдуга,атын оройуонтан көһөн кэлбиттэрэ.Бастаан ийэлээх эбээбин кытта убайым кэлбиттэр,онтон а5ам отой хойут кэлбитин билэбин.Оччолорго Ыстапаан ойо5унаан,о5отунаан,ийэтинээн,эбээтинээн биир дьиэ5э симиллэн олорбуттар.Мин дьонум кинилэри кытта ыаллаһан,ылсан-бэрсэн,олох бодоруһан,аймахтыы тэҥэ буолан хаалбыттар.Эбээм сотору-сотору ыалдьыттыы тахсар эбит.Үтүө санаалаах,сымна5ас майгылаах эмээхсин буолан бэркэ сөбүлэппит. Ол курдук мин дьонум саҥа дойдуга көһөн кэлэн,оннуларын булан,олохсуйалларыгар Ыстапааннаах көмөлөрө,өҥөлөрө саарба5а суох буолла5а.Ийэм оччолорго хат сылдьар эбит. Мэлтэйэн түhэн иhэ ураты улаханын дьон сөҕө көрөр үһү. Дьэ ол курдук биир үтүө киэhэ ийэм ханнык эрэ улахан мунньахтан дьиэтигэр кэлээт да,уута то5о барбыт,субу төрөөрү ыксаппыт.Ол кэмҥэ суhал көмөнү ыҥырыахха диэтэххэ түлүпүөн ыал аайы суох буолла5а.Эбээм Ыстапааннаахха ойон тахсан,балыыһа5а илдьэргэ көрдөспүт.Ыстапаан обургу өр өтөр гыныа баара дуо,матассыыкылын эһээт да,ийэбин хаһыытаппытынан "роддомҥа"көтүтэн а5албыт.Өлүү түбэлтэлээх роддому кытта кэккэлэһэ турар дьиэ умайан күдээрдэ турарыгар тиийбиттэр.Улахан истээх,саҥа төрөөбүт кыһыл о5олоох дьахталлар таһырдьа тэскилээн,ыраахтан баhаары көрө тураллар эбит.Арыый да кыаналлара солуурунан уу баhан а5алан,уоту умаллара сатыы сылдьыбыттар.Дьэ ол да буоллар,үрдүк сололоох баартыйа үлэһитин,быраастар быhа гыммакка балыыһа5а киллэрэн,төрөтө охсорго күһэллибиттэр.Инньэ гынан хайыахтарай таһырдьа төрөтүөхтэрэ дуо?Ыстапаан ийэбин өйөөн эмиэ киирсибит.Быраастар ийэбин палаата5а киллэрээт,төбөтө хайыы сах быган эрэр о5ону,ситэри орообутунан барбыттар.Ыстапаан ол кэмҥэ ийэм хаhыытыырын истэ-истэ тэбис тэҥҥэ ыгыллан,көрүдүөргэ төптөрү-таары хаамыталыы сылдьыбыт.Ол тухары о5о ытыыра иhиллэн биэрбэтэх.Устунан долгуйан киирэн барбыт,палата ааныгар кулгаа5ын да5айан иhиллии сатыыра үксээбит.О5о ытыыра иhиллэн биэрбэтэх.Сотору со5ус бэркэ ыксаабыт сиэстэрэ кыыс палаататтан ойон тахсыбыт уонна Ыстапааны түҥнэри көтө сыыhан,көрүдүөр устун сүүрэ турбут.Ону Ыстапаан сырсан тиийэн ыйытааччы буолбут: -Хайа хайда5ый,уол дуу,кыыс дуу? -Кыыс,-диэт сиэстэрэ ааһа сүүрэ турбут. Палаата аана ситэ сабыллыбата5ынан туһанан,Ыстапаан обургу өҥөйөн көрө охсубут.Остуолга быыкаайык,хап-хатыҥыр кыыс атахтарын өрө тэбэн сытарын чуо көрбүт.Ийэм сэниэтэ суох,өйүн сүтэрбит курдук сытара үһү.Бу турда5ына сиэстэрэ кыыс,биир а5амсыйбыт со5ус быраас батыһыннарыылаах тиийэн кэлбит.Сэрэйдэххэ туох эрэ улахан сололоох,билиилээх быраас буолуо. -О5о то5о ытаабатый,аа? Ыстапаан ыйытан көрбүтүн: -Эн манна то5о тура5ын?Көҥүллэммэт,ыл таһырдьа та5ыс,-диэн сиэстэрэ холдьохпут уонна палаата аанын ис өттүттэн "лап" гына сабан кэбиспит. Ол да буоллар Ыстапаан тахсыбакка истэн турбут.Сотору со5ус буолаат,киһи кулгаа5а тэһэ барыах айылаах,о5о ытаан сарылаабыт.Ону кытта тэбис-тэҥҥэ "роддом" аҥар өттө күрүлэччи умайан тахсыбыт.Ыстапаан буруо быыhынан харбыалаhан ааны былдьаспыт да, кыайан тахсыбакка,утары палаата түннүгүн то5о охсон таhырдьа ыстаммыт.Онтон быраастары,ийэбин,саҥа төрөөбүт о5ону түннүгүнэн кыл-мүлчү таһаартаабыт.Ити курдук ол киэhэ "роддом" туга да5аны ордубакка бүтүннүү умайан хаалбыт.Эргэйэн эмэ5ирбит дьиэ өр барыа дуо.Ыстапаан,ийэбин кыһыл о5отунаан,дьиэбитигэр тиэйэн а5албыт.Ийэм барахсан ыараханнык төрөөн, ол да өйүгэр киирбэккэ сылдьаахтаабыт. Икки өттүттэн өйөөн хоhугар киллэрэн оронугар сытыарбыттар.Онтон хаан-билик буолбут о5ону эбээм көтө5өн киллэрэн,сууйаары бэлэмнээн,сыгынньахтаабытынан барбыт. Дьэ онно Ыстапаан көрбүтүн итэ5эйбэккэ,соһуйан тиэрэ баран олоро түспүт. -Кы-кы-кыыс...этэ буолба-а-ат.Хайдах уо-уо-уол буо-буо-буолан хааллай? Диэн кэлэ5эйдии олордо5уна эбээм кэтэххэ биэрэн сырбаппыт. -Нохоо,ону-маны туойа сылдьаайа5ын! Тылгын быhа сарбыйан кэбиhиэм!Олох сэрэн!.. Мин истибиппин итэ5эйбэккэ: -Эс,ама,кырдьа5ас ал5аһаатын ини? -Хайдах ал5аһыахпыный.Остуолга хап-хатыҥыр,бүтүннүү саhаран хаалбыт,быыкаайык кыыс сытарын икки харахпынан олох илэ көрбүтүм.Эн буолла5ына бөскөйөн,кытаран түһэҥҥин,кырата биэс киилэлээх бухатыыр этиҥ.Ону ааhан икки тиистээх төрөөбүккүн чопчу өйдүүбүн.О5о эрдэххинэ "Икки тиистээх лаппыыска" диэн ыыстыылларын өйдүүр инигин.Дьэ,до5оор, онон мин эйиэхээ «крестный отец» буолабын,-диэн Ыстапаан ымах гыммыта. Дьэ,бу сааспар диэри истибэтэхпин истэн дэлби мунчаарбытым.Кырдьык мин төрүүрбэр түөрт аҥар киилэ этим.Бу о5онньору итэ5эйдэххэ иигирэ аҥара буолуохпун сөп эбит.Оччо5уна эдьиийим,иигирэм аҥара,уокка былдьаммыта эбитэ дуу,төрүүрүгэр моһуогурбута эбитэ дуу? Ону баччааҥҥа диэри миэхэ ким да5аны кэпсии илигэ. Ийэбин төрөппүт быраастары кытта Ыстапаан,ону тэҥэ эбээм эрэ билэ сылдьыбыт кистэлэҥнэрэ буолла5а. Салгыытын кэлин суруйуом.
Ыстапаан арыгытын куттан,аhыыр5атан да көрбөккө,биир тыынынан хантатан кэбиспитэ.Онтон дьэ хара5а уоттанан,тыла сөллөн кэпсээнин сал5аабыта. Ити күһүн,Атырдьах ыйын бүтүүтэ этэ бада5а,Балбаара эмээхсин эйигин көтөҕөн,биһиэхэ киирэн кэлбитэ. Мин эбээбин кытта тугу эрэ кэпсэтэн эрэллэрэ,онтон мин диэки хайыһан: -Нокоо,бу киэһэ биһигини кытта ойуурга барсаар эрэ,эр киһитэ суох табыллыа суохпут. -Ол то5о түүннэри ойуурунан харахтанныгыт? -Бу уолбун ал5ыам этэ. Киэһэ хараҥарыыта,уоруйахтар курдук тэринэн,дьонтон саһа-саһа матасыыкылбын мэҥиэстэн,быра5ыллыбыт өтөхтөөх алааска тиийбиппит.Уу чуумпу дьикти сылаас киэһэ этэ.Халлааны сууллары тардан кэбиспит курдук,ахсаана биллибэт сулустар төбөбүт эрэ оройунан,илиигин уунаҥҥын биһигини харбаан ыл дэһэрдии көөчүктэнэ оонньоон тырымнаһаллара. -Ыстапаан,уотта отун эрэ,-диэт эбээм алгыска бэлэмнэнэн барбыт.Мааппа эмээхсин (Ыстапаан эбээтэ)миигин көтөҕөн,төптөрү-таары хаамыталыы сылдьыбыт. Тэринии бүтэн,уот кутаалыы оттуллан алгыска барыта бэлэм буолбут.Дьэ ол кэннэ эбээм алгыһын сыыйа-баайы са5алаабыт.Маҥнай ботугураан үгэһинэн уот иччититтэн көрдөспүт.Салгыы туох буолар эбитий диэн, Ыстапаан дэлби сэҥээрэн кулгаах-харах буолан,оло5ун оҥостон кэтэһэн олорбут.Эбээм тугу ботугуруурун истэ сатаабыт да5аны,бу диэн тугу да5аны арааран быhаарбатах.Арай сотору-сотору,халлаан диэки хантайан,ханнык эрэ сулуһу ааттыыр үһү.Ол сулуска суорума суолламмыт о5о кутун миигиттэн тэйитэн,саас-үйэ тухары саһыарабын...Сиэним иигирэтин аҥарын көрдөөн,сааһын тухары муҥнамматын,толору киһи сиэринэн оло5у олордун...Суорума суолламмыт кыыс,үтүө санаалаах эрэ буолларгын,бу о5обуттан көмүс оло5ун былдьаһыма...Айыы таҥара айыыта оннук буолла5а,ону утарар кыахпыт суох...диэбитин өйдөөн истэн хаалбыт.Эбээм чочумча саҥата суох уоту одуулаан олорбут,онтон эмискэ төбөтүн уҥа-хаҥас илгиэлээн ойуун тэҥэ сытыы тылларынан кыыран киирэн барбыт.Туттара-хаптара олох эдэр дьахтар бэтэрээтинэн буолан хаалбыт.Өрүтэ ыстана-ыстана: -Өтө көрөр,уда5анныыр Айыл5аттан айдарыылаахпын илдьэ аналлаах сулускар аттана тур,бу сири саас-үйэ тухары букатын умун,-диирин кытта илиитигэр кыра о5о баар буолан хаалбыт.Ону кытта тэҥҥэ мин: -Эдьи...,-диэн бэрт чуолкайдык саҥа таһаарбыппын.Ону бары чуо истибиттэр.Эбээм көтөҕөн турар оҕото мин диэки хайыһан көрбүт уонна хара5ыттан саҥалаан бүтүннүү кутаа уотунан умайан, кыым буолан бытыр-бытыр ыһыллан халлаан диэки субуруйа турбут. Барыта бүппүтүн кэннэ,саҥата суох сып-сап төннөөрү хомуммуттар.Ыстапаан көрбүтүттэн куттанан,аны киhини сиэ диэн,эбээбиттэн олох тэйиччи тутта сатаабыт. -Балбаара,хайа сатанна дуо? Мааппа тулуйбакка ыйыппыт. -Дьэ ким билэр,аны биэс-алта сылынан биллиэ буолла5а,-диэбит эбээм. Эн эбээн уда5анныырын,дьону имэрийэн-томоруйан эмтиирин,ол да иннинэ хаста да5аны көрбүтүм,олох сытар да киһини ата5ар туруорбуттаа5а, ол эрээри бу курдук ойууннуу кыырбыта олус дьулаан этэ.Онно көтөҕөн турбут о5ото үүт-үкчү били роддомҥа көрбүт кыыһым курдуга. Дьэ ити кэннэ Ыстапаан эбээтинээн бу быhыыны-майгыны саас-үйэ тухары кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан кэриэс тылларын биэрбиттэр. -Ама икки эрэ ыйдаах о5о хайдах дор5оон таһааран саҥарыай? Мин соччо итэ5эйбэккэ ыйыппытым. -Дьэ,кырдьык кэпсиирим омуннаах курдук.Ба5ар итэ5эй,ба5ар итэ5эйимэ. Кырдьык да,мин о5о сылдьан түүн аайы араас бэйэлээх сулустарга илэ кэриэтэ көтөн тиийэн,тугу эрэ дуу,кими эрэ дуу көрдүүрбүн баччааҥҥа диэри кимиэхэ да5аны кэпсии иликпин.Ол эбээм ханнык эрэ аата биллибэт сулуска иигирэм аҥаарын ал5аан ыыппытын Ыстапаан хантан билиэ баарай.Кэпсээбитэ эмиэ да оруннаах курдук. Иигирэлэр бэйэ-бэйэлэригэр тардыhыылара олус күүстээх дииллэр.Төһө да ыраах сырытталлар өйдөрө-санаалара биир буолар үһү.Ол аата эбээм төһө да күүстээх уда5ан аатырдар,миигин эдьиийбин кытта ситимниир айыл5абыт күүһүн кыайбатах буолла5а дуу?
Олорбохтуу түһэн баран Ыстапаан арыгытын эбии куттан испитэ,холуочуйан эрэрэ биллэн барбыта. -Эбээн хайдах уда5анныыр буолан барбытын билэ5ин дуо? Мин ону билэр этим,эбээм о5о эрдэхпинэ кэпсээн турардаах.Ол да буоллар бу о5онньор кэпсиирэ бэрдэ бэрдиттэн уонна ба5ар туох эмэ саҥаны истиэм диэн: -Суох,дьэ кэпсээ эрэ,-диэн албыннаабытым. -Балбаара эмээхсин хас сыллаахха төрөөбүтүн бэйэтэ да билбэт,эн а5ан суоттуурунан 1892 сыллаахха төрөөбүт буолуон сөп курдук.Гражданскай сэрии кэмигэр улахан уолум 13-14 саастаах этэ диэбиттээ5э.Биир күһүн гражданскай сэрии үгэннээн турар кэмигэр сайылыктарыттан саҥа көһөн кэлэн оҥосто-тэринэ сырыттахтарына,оройунан көрбүт дьукаах уоллара хара5ын быччаччы көрөн,атынан көтүтэн кэлбит,ыстанан түһээт да: -Нууччалар иһэллэр,сэрии дьоно,бука бары саалаахтар.Аттаргытын,сүөһүлэргитин тыа5а күрэтэ охсун,-диэн тыын былдьаһа-былдьаһа омуннаахтык орулаабыт. Дьон бары аттарын,сүөһүлэрин ойуур диэки күрэтэн сайдаабыттар.Сэрии саҥана кыһыллар эрэ,үрүҥнэр эрэ хантан билиэхтэрэ баарай.Билэллэрэ эрэ нууччалар.Кэллилэр да сааларынан ыгыалаан,куттаан сүөһүлэрин өлөрөн,ыһа-то5о аһаан,түмүгэр көлө аттарын былдьаан бараллар эбит.Ол иһин саалаах дьон иһэрин биллилэр да аттарын,сүөһүлэрин тыа5а куоттарар буолбуттар.Бу да сырыыга саалаах дьон кэлиэхтэригэр диэри баттаһан сүөһүлэрин куоттара охсон,кураана5ынан мэлдьэһэ көрөн олорбуттар. Өр өтөр буолбакка,а5ыйах аттаах,үксэ сатыы дьон тиийэн кэлбиттэр. -Коммунист,кто коммунист? Дии-дии ыкпыттар. "Коммунист" диэн бэркэ билэр тыллара да буоллар,бу ба5айылар кыһыллар эбитэ дуу,үрүҥнэр эбитэ дуу? Аны ал5ас тыллаһан ытыллан хаалыахпыт диэн бука бары ылы чып олороохтообуттар.Аахсыахтарын ба5арбыттарын да иһин нууччалыы билэр диэн кэлиэ дуо,суох буолла5а дии. Онтон биир күтүр эбээбин батта5ыттан эрийэ тардан ылан,чэчэгэйин бистэлиэтинэн тирээбит: -Муж коммунист? Кто ее муж,встать,-диэн бардьыгынаабыт. Алдьархай тахсаары гыммытыгар эбээм кэргэнэ тулуйбакка: -Мин,мин хомуньуус...-диэхтээбит. Дьэ онтон Охонооһу (эбээм маҥнайгы кэргэнэ)соһо сылдьан,кырбыы-кырбыы ас-үөл,ынах,ат көрдөөн барбыттар.Ол да буоллар туһа тахсыбатах,Охоноос биир да тылы быктарбатах.Сүөһүтэ,ата суох хайдах кыһыны туоруохтарай?Син-биир өлбүттэрин тэҥэ буолла5а.Тугу да5аны этиэ суо5ун билэн,атын дьону куттаары,Охонооһу уонна эбээбин бала5антан соһон таһааран тыа са5атыгар илдьэ барбыттар,атын дьону эмиэ,саа уоһунан кэйиэлээн үүртэлээн а5албыттар.Бары көрөн турдахтарына,иккиэннэрин кэккэлии туруоран баран ытан кэбиспиттэр.Улахан уоллара: -Ийээ,а5аа-диэт сүүрэн тиийэн дьонугар саба түспүтүн эмиэ тирээн туран ытан кэбиспиттэр.
-Дикари,звери!Всех надо перестрелять! Диэн аны турар дьону ыган,кырбаан барбыттар. -Хамандьыыр,хамандьыыр бостуой.Таам,таам бээт биэрэстэ багатай чэлэбиэк баар.Онно коруоба,куонь монуога,туда барыҥ,-диэн баччааҥҥа диэри куттанан,мас кэннигэр саһан сыппыт "оройунан көрбүт" уол тулуйбакка тахсан кэлбит. -Ты,дикарь обманываешь? -Кырдьык,кырдьык...обмаан нету. -Тогда ты пойдешь с нами,дорогу покажешь. -Хоросо,хоросо. Ити курдук сэрии дьоно тугу да булбакка,ситиспэккэ аттаахтара аттарын миинэн,сатыылара сатыы,"оройунан көрбүт" тулаайах уолу сирдьит оҥостон бара турбуттар. Быдан ырааппыттарын кэннэ,дьон дьэ уоскуйан ботугураһан кэпсэтэн барбыттар. -Хата уолбут нууччалыы билэр буолан абыраата ээ. -Акаары дьахтар,Охонооско махтан.Охоноос кырбанарын тулуйбакка тыллаан биэрбитэ буоллар биhиги да5аны бу кыһын хара буору уобуо этибит. -Чэ,айдаара турбакка ииҥнэ хаһан өлүктэри кистии охсуохха. Үөн-көйүүр,сүүрэр-көтөр эрэ сиэбэтин диэн бэрт чычаас ииҥ хаһан баран,өлүктэри кэккэлэччи сытыартаан,көмөн кэбиспиттэр. -Бу Балбаара барахсан быстахха былдьанан хаалаахтаата. -Сүөһүлэрбит,сылгыларбыт бүтүн хаалбыттарыгар махтал. -Оннук ээ,дьэ аныгы сырыыга кэлэллэригэр хаспытын дьаһайан бараллар. -Кэмэ кэллэ5инэ бары да хара буору уобар инибит,сүөһүлэрбитин эрэ тыыппаталлар олорбохтоон эриэхпит буолла5а. Онуоха-маныаха диэри сүөһүлэрин өрүһүйбүттэриттэн үөрэн,дьон ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ бала5аннарын диэки бара турбуттар.Өлбүттэри аһыйбыт чинчилэрэ биллибэтэх да5аны.Оччолорго дьон,о5о-уруу кэмэ суох өлөр буолла5а,хастарын аһыйан харахтарын уутун то5о сылдьыахтарай.Эбээм бастакы кэргэниттэн сэттэтэ о5оломмут да,ити улахан эрэ уола киhи-хара буолан улаатан иһэн тыына быһынна5а.Уоннаа5ылара саастарын да5аны туолбакка өлөөхтөөбүттэр.Бука бары ити тыа са5атыгар кистэнэн сыттахтара. Дьиктитэ диэн баар,эбээм өлө сытан,дьон ону-маны кэпсэппитин барытын илэ истэ сыппыт.Сүүскэ ыттаран,охтон түһүөн икки ардыгар,олорбут оло5ун буолбакка,инникитин көрбүт.Хайдах уда5ан буолан дьону эмтиэхтээ5ин,мин эһээбин,Мэхээлэни ис сүрэ5иттэн таптаан ойох тахсыахтаа5ын,иигирэ о5олор төрүөхтээхтэрин,онтон улаханыгар уда5анныыр айдарыытын иҥэриэхтээ5ин,кутун туттарыахтаа5ын,онтон да атыны барытын көрүүлэммит. Түүн үөһүн са5ана эмискэ олоро биэрбит,тыын былдьаһан,өрүтэ тыынан уһуутаабыт.Сүүһүн хаба ортотугар хатанан хаалбыт буулдьаны кымаахтаан ороон таһаарбыт.Онтон дьэ туран,көмүллэн сыппыт сирин биллибэт гына тарыйан кэбиспит.Онтон дьэ ата бааллан турар сирин диэки хаампыт.Ыккый ойуур быыһыттан чуҥкуйан турар атын булан ылбыт,хата сыгынньахтаабатахтар эбит.Эбээм атын мииммит да,төрөөбүт алааһын диэки хайыһан да көрбөккө ,бырастыыласпакка да,иннин хоту айанныы турбут. Ити курдук кини хотуннан-со5урууннан кэрийэ сылдьан дьону эмтиир,уда5анныыр саҥа оло5о саҥаламмыт. Көрүүлэммитин курдук чиэппэр күүстээх,Мэхээлэ диэн ааттаах киһини көрсөн,ис сүрэ5иттэн таптаан,ойох тахсан,о5о-уруу төрөтөн,ыал бэрдэ буолбуттар. -Дьэ,дьикти эбит,-мин сөхпүппүн биллэрбитим. -Ити мин эбээбэр кэпсээбититтэн өйдөөн хаалбыппын кэпсээтим. -Бэйэ эрэ,онтон мин таайым эмиэ иигирэ кыргыттардаах этэ ээ.Онтон бииригэр уда5анныыр айдарыытын то5о иҥэрбэтэ5эй? Булан-булан өлөн төрөөбүт дуу,уокка былдьаммыт дуу,уҥуо5а да тутуллубатах мин эдьиийбэр анаан иҥэрбитэ буолуой? -Ону мин билбэппин,-Ыстапаан холуочуйан хаалбыт харахтарынан миигин халтарыта көрөн кэбиспитэ. Таайым,мин ийэм быдан иннинэ,олох эдэр сылдьан ыал буолбут.Миигиттэн уон сыл а5а,үүт үкчү иигирэ кыргыттардаа5а үһү.Кинилэри мин хаhан да5аны көрбөтөҕүм.Мин төрүөм а5ай иннинэ...,биһиги төрүөхпүт а5ай иннинэ диирим ордук буолара дуу?Биhиги төрүөхпүт а5ай иннинэ,ууга түһэн өлөн хаалаахтаабыттар.
-Онтон эн билигин көрүүлэммэккин дуо? Ыстапаан соһуччу ыйытан ууга-хаарга түһэрбитэ. -Суох,суох кэбис,-мин кыккыраччы мэлдьэһэн кэбиспитим. -Ээ,онтон оскуола5а үөрэнэр кэмҥэр ону-маны куһа5аны биттэнэн дьону куттуур этиҥ,ол иһин ыйыттым.Ол иһин биһиги эйигин "Абааһы уола" диэн ааттыыр этибит.Биттэнэр эбит да буоллаххына,оччолорго хомуньуус үйэтин саҥана ким да улахаҥҥа ууран итэ5эйбэт кэмэ этэ буолла5а. -Ол эрээри саҥа хааман,тылланан эрэр кэмҥэр ону-маны лэбэйдээн,дьону сөхтөрөргүн өйдүүбүн ээ,-Ыстапаан кэпсээнин сал5аабыта. От үлэтэ үгэннээн турар кэмигэр дьонум үс сааспын туолар күммүн бэлиэтээри тэриммиттэр.Эмээхситтэр ас бөҕө астаан остуол тардыбыттар.Киэһэ дьон оттоон кэлиилэригэр барыта бэлэм буолбут.Ыстапаан арыгы испэтэ5э ыраатан,иҥсэтин кыаммакка,дьон быдан иннинэ,миэхэ анаан кэһиилээх,бастакы киирэн кэлбит. -Һыччыай,бу эйиэхэ,-диэн кэһиитин туттарбыт уонна,-Сабачча улахан киһи буола улаатаар,-диэн илиитин өрө ууммут. -Кини эмиэ даа,-диэбиппин.Ыстапаан улахаҥҥа уурбакка: -Оннук,оннук..,-диэт,эбээтин диэки хайыһан-эбээ,ыл кыратык үрүҥ арыгыта кутан биэр эрэ. -Оо,бу сордоо5у,-сүгүннүө суо5ун билэн эбээтэ кутан биэрбит. Ыстапаан арыгытын иhэн,санаата чэпчээн миэхэ тиийэн кэлбит.Мин кыра о5олорго анаан туһунан остуолу тардан,хачымахтаһа сылдьарбын көрөн,көмөлөспүтэ буолбут. -Тыый,бу то5о элбэх ба5айы олоппоһу туруордун,бачча элбэх о5о кэлэр дуо? -Эбэх-эбэх о5о кэлэй,Вася,Никита,Куочук,эдьиий уонна убаай,-кэлиэхтээх о5олору биир-биир ааттыы-ааттыы олоппосторун ыйаталаабыппын. -Эдьиий Маша улахан дии,бу олоппоско баппата буолуо,-Ыстапаан миигин сыллаан ылан,өрүтэ быра5аттаан,аралдьытан кэбиспит. Ити курдук малааһын саҥаламмыт.Улахан дьон арыгы иһэ-иһэ,күлэ-үөрэ кэпсэппиттэр.Сотору-сотору мин доруобуйам туһугар үрүүмкэлэрин көтөхпүттэр.О5олор туһунан остуолга,эбээлэрбит буһарбыт,минньигэс астарын,кэмпиэт арааһын мотуйа олорбуппут.Арай мин аттыбар биир кураанах олоппос турар эбит,мин онно кими да5аны чугаһаппаппын Ыстапаан холуочуйан эрэр да буоллар,бэлиэтии көрбүт.Бу олордохпутуна,бииргэ балыктыыр таайым (иигирэ кыргыттардаах ол атын таайым)отун үлэтигэр тардыллан,хойутаан хаалан,ыксаан а5ай киирэн кэлбит.Саҥа кэлбит киһиэхэ олоппос тиийбэтэх,ол иһин ийэм олоппос көрдүү ыалларга тахсыбыт.Ол кэмҥэ таайым: -Ээ онтон бу үчүгэй ба5айы олоппос баар батта,кырачаан да буоллун ээ,хайдах эмэ олорор инибин,-диэт хаба тардан ылбыт. -Эдьиий охтон түстэ дии,-мин кими эрэ аһыйбыттыы ытаан барбыппын. Төрөөбүт күннээх киһилэрин ытатан кэбиһэн,бары уоскутар аакка барбыттар. -Айаал көр,бу ким да суох дии,эдьиий Маша бу олорор дии,-таайым көтөҕөн ылан саараппыт.Ыстапаан кыыһын эдьиий диир этим. -Айаал,мин бу баарбын ытаабаппын дии,эн эмиэ ытаама,-диэн Маша эмиэ кыттыспыт. Арай эмээхситтэри кытта Ыстапаан айахха бэрдэрбиттии саҥата суох бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиспиттэр.Иигирэ аҥара буоларбын ахтыбатахтара ыраатан,олох да умна быһыытыйбыттарын санатан соhуппуппун. Бу Ыстапаан кэпсээбит түгэнин мин онон-манан өйдүүр курдук эбиппин.Эдьиийим мөссүөнүн илэ көрбөтөрбүн да5аны,туох эрэ күлүк аттыбар олорор курдук этэ.Таайым олоппоhу харбаан ылбытыгар,ынырык бэйэлээхтик часкыйбытынан сиргэ баран түспүтэ хайдах эрэ өйбөр хатанан хаалбыт.Ити күлүк бу эрэ түгэҥҥэ буолбакка,мин өйдүүрбүнэн хаста да көстүбүт курдук.Онтон алта сааспын туолар сайыммар,ханнык эрэ аата биллибэт,дьикти бэйэлээх сулуска тиийэн,сирдээ5и кыыһы булан до5ордоһуохпуттан ыла,күлүк сүтэн,барыта илэ тэҥэ буолан хаалбыта.
Ити түүн Ыстапаан өссө да элбэ5и кэпсээбитэ.Сарсыарда диэкинэн о5онньорум улаханнык холуочуйан киһи өйүгэр батан киирбэт түгэннэри,киһи киһиэхэ сатаан кэпсээбэт, кыбыстыылаах быһыылары санаабар олус омуннаан кэпсээн киирэн барбыта.Ону соччо итэ5эйбэккэ истэн олордохпуна,убайым эрийбитэ: -Ханна сылдьа5ын,кэлэ о5ус,сотору барыа этибит. Таҥнан,бараары туран: -Чэ,Ыстапаан кэпсээҥҥэр махтал.Хаһан эмэ көрсөр инибит,-диэн тахсан баран эрдэхпинэ: -Аны эйигин кытта көрсүбэтэх киһи бэрт буолуо этэ,"Абааһы уола",-диэн хайдах эрэ тоһо5олоон этэн эрэрэ. Мин ол аайы кыһаммакка,элбэ5и истэн билбиппиттэн санаам чэпчээн,убайым аах дьиэлэрин диэки түһүнэ турбутум. Убайым малбын-салбын хомуйан бэлэмнээбит этэ.Сыыһа-халты хабыалатаат да айаннаабыппыт. -Ханна хоннун? -Ээ,Ыстапааны көрсөн,киниэхэ хонон хааллым. -Һэ-һэ,Ыстапаанын төһө да кырыйдар баччааҥҥа диэри олох тэтиэнэх сылдьар дуу? -Оннук эбит. -Хата эйигин "Абааһы уола" диэбэтэ дуо? "Абааһы уола" төннөн кэлбит диэн дэриэбинэ бүтүннүү туола охсубут дии.Ма5аһыын иннигэр уолаттары кырбаабыккын дьон бары билбитэ эрэ баар,-убайым күлэн мичик гыммыта. -Ол то5о миигин "Абааһы уола"диэн ыыстаатылар,-мин онтон хайдах эрэ өһүргэниэх санаам кэлбитэ. -Дьэ,ким билэр.Ба5ар куруук со5отох сылдьарын иһин буолаарай? Эбэтэр урут дьону быһа саҥарталыырын иһин эбитэ дуу? Кырдьык,бултуу-балыктыы барарбар куруук со5отох сылдьарым.Киhилээх-сүөһүлээх да сиргэ сырыттахпына дьону кытта соччо-бачча алтыһааччым,кэпсэтээччим суох.Онтон дьону быһа саҥарбыппын бу диэн олох өйдөөбөппүн. Биhиги аныгы мотуордаах тыынан өр өтөр гыммакка аналлаах сирбитигэр түргэн бэйэлээхтик көтүтэн кэлбиппит.Аныгы сэптэрэ түргэнэ,кыанара диэн сүрдээх эбит уонна тыаһа кырата сөхтөрбүтэ.Убайым малбын кытылга сүөкээт да: -Сарсын күн ортото кэлэн ылыам,хомунан бэлэм олороор.Бириэмэ кырыымчык,үлэ-хамнас баһаам,-диэт төптөрү айанныы турбута.Сүүрүк утары да буоллар,мотуора ыарыр5атан да көрбөккө түргэн бэйэлээхтик харах далыттан тахсан көстүбэт буола охсубута. Мин таһа5астарбын сүгэн,дьэ ахтыл5аннаах сирим диэки хайыһаат,этим тардан "дьик" гынан ылбытым. -Тыый атын сир дуу,-диэн дөйөн туран хаалбытым. О5о сылдьан өрүтэ сүүрэкэлээбит туруору сыырбын уу дэлби суурайан,сиҥнэн хаалбыт.Эҥин араастаан туора-маары адаарыспыт үөт мастар субу сууллан түһүөхчэ кытылга кыл мүлчү иҥнэн тураллара.Түөспэр диэри уһуу үүммүт хагдарыйабыт ото тыал үрдэ5ин аайы сарбаҥнаһарга дылы гыналлара.Урукку кэрэ бэйэлээх көстүүтэ ханан да5аны хаалбатах.Бу көрбүппүн итэ5эйбэккэ,таһа5аспын кытылга хаалларан,сыыры дабайан тахсыбытым.Арай онно көбүс-көнө,муус-маҥан со5отох хатыҥ адаарыспыт үөт мастары быдан куота үүнэн тахсыбыт.Өссө да онон-манан хаалбыт күөх сэбирдэхтэрэ тыалга көтүмээри кытаанахтык тутуһан тэлибирии оонньууллара.Бу хатыҥ урут суох этэ ээ.Хайдах сүүрбэччэ эрэ сыл иһигэр бачча буола хоройо улаатан,үүнэ охсубута эбитэ буолла? Мин сөҕөн хатыҥы эргийэ хаама сылдьыбытым.
Тэһийбэккэ төптөрү-таары хаамыталыы сатаан баран,ол диэки ыраах оччуттар баар буолааччыларын өйдөөн,онно баран кэлэргэ санаммытым.Урут ыллык дэлэй этэ,билигин ханан да суол-иис баара көстүбэт буолбут.Мин тыа са5атынан,уһун күөлү батыһа баран испитим.Ол тухары биир да кэбиһиилээх оту көрбөтөҕүм.Муммакка отуу оннун булан тиийбитим,туох да хаалбатах.Сарайдарын элээмэтэ эрэ турара.Бу дойдуга оттообот буолбуттара ырааппыт эбит.Мин урут биэс тарба5ым курдук билэр арыыбын эргийэ хааман кэлбитим.Биир да тыынар тыыннаа5ы көрсүбэтэ5им,балыксыт да,кусчут да суо5а.Бу арыыга дьон сылдьыбата5а ырааппыт эбит. Отуубар төннөн кэлэн,бастаан балыктыах курдук буолан,илиммин,балыктыыр тэриллэрбин таһааран иһэн,атыҥыраан эбитэ дуу,то5о эрэ санаам буолбата5а.Малларбын төптөрү хаалаан кэбиспитим.Арыыны эргийэн кэлиэхпэр диэри киэһэрэн да барбыта.Ити үүнэн тахсыбыт хатыҥ миигин угуйарга дылы гыммыта.Тиийэн кууһан ылбытым,ол курдук эдэр сааспын санаан өр да өр кууһан турбутум.Ити туруору сыырдаах сиргэ Сулусчааналыын сырса оонньуур этибит.Кини миигин куруук куотара.Мин хотторорбуттан олус кыһыйарым,төһө да кытара-кытара туох баарбынан түстэрбин,син биир хайдах да куоппат этим.Онтон ол кытылга илии илиибититтэн ылсан ыллыы-ыллыы,үҥкүүлээн эргийэ сылдьарбыт харахпар олох бу баардыы көстүбүтэ.Оол-ол тыа са5атыгар балааккабыт турара,онно мин Сулусчаананы кууһан туран,аан бастаан сыллаабытым.Эдьиийим буоларын хантан билиэм баарай.Ити санаабыттан уонна хатыҥы кууһан турарбыттан дэлби кыбыстан илиибин ыһыктан кэбиспитим.Ол да буоллар бу хатыҥтан то5о эрэ тэйбэккэ,ону-маны саныы-саныы өйөнөн олорбутум.Күһүҥҥү халлаан хараҥаран барбыта.Мин түүнү быһа Ыстапаан кэпсээнин истэммин утуйбатах буоламмын нухарыйан ыларга дылы гыммытым.Онтон кынат тыаһыттан эмискэ уһуктан кэлбитим,үп-үрүҥ хаххан көтөн кэлэн,кэккэлии турар үөт маска олоро биэрбитэ.Төбөтүн уҥа-хаҥас эргитэн тугу эрэ одуулаабыта,ол быыһыгар уун-утары миигин тобулу көрөн ылбыта.Киһи олорор диэн улахаҥҥа уурбат курдуга.Тугун дьиктитэй диэн,мин туран кэлбитим,онно да кыһаммата5а. Туй-сиэ,сирбин аһатарбын умнан кэбиспиппин,ол иһин дьээбэлиир дуу,дии санаан сүүрэн тиийэн,убайбыттан ылбыт буоккабын рюкзакпыттан ороон таһааран сирбин ал5аан аһаппытым.Онтон,ээ чэ бачча дойдубар үктэммиччэ кыратык иһиэххэ диэн,ыстакааммар куттан иһэн кэбиспитим.Арыгы испэтэ5им ырааппыт буолан,начаас төбөбөр тахсыбыта.Хатыҥмар төннөн кэлэн,өйөнөн олорбутум.Ол тухары хахханым олох да көтөр санаата суох,уоттаах хара5ынан миигин утары көрөн олорбута. -Дорообо,хаххан.Тугу кэпсээри кэлэн олоро5ун? Диэн эрэр курдугум да,бүтүннүү тумаҥҥа сууланан,бэйэбин билбэт буола чэпчээн,хараҥа халлааҥҥа кыырайа көтөн тахсан айанныы турбутум...
О5о эрдэ5инээ5им курдук чэпчэки бэйэлээхтик көтө дайан иһэбин.Урут Сулусчааналыын көрсөөрү ыксаан бу курдук түргэнник көтөр буоларым.Эҥинэ бэйэлээх араас сулустары уҥуордаан,көрүөх бэтэрээ өттүгэр аналлаах сулуспар тиийэ охсорум.Эчи үчүгэйиэн,о5о сааспын санаан,хараҥа халлаан устун сындыыстыы устан иһэр... -Бэйэ эрэ,урут сулустар сандааран суолбун сырдатар этилэр ээ...Билигин тулам то5о хараҥатай,сулустар ханналарый? Мин илиибин,атахпын хамсата сатыыбын да олох истибэттэр,ким эрэ миигин салайан иһэргэ дылы.Киһи эрэ буолларбын куттанан утарылаһан көрөбүн да туһа суох.Онтон санаабар кыччаан-кыччаан,эһээкэй о5о тэҥэ буолан,дэлби сыраан курдук ынча5ай туох эрэ иһигэр баар буолан хаалбытым.Аттыбар эмиэ бэйэм курдук о5о кыбыллан сытар.Аһыыр аспын былдьаһа сатаахтыыр да мин бэрсэр санаам суох,киинин ыган эрийэ тутан кэбиһэбин уонна бэйэм эрэ супсуйан дэлбэрийэбин. -Бэрис даа,мин эмиэ тыыннаах хаалан күн сирин көрүөхпүн ба5арабын,-диэхтиир да мин онно эрэ кыһаммаппын.Онтон эбээм куолаһыгар маарынныыр,ким эрэ саҥата хантан эрэ,тас өттүттэн,ыраахтан иһиллэр: -Тукаам,аҥаргын муҥнаама.Кинитэ суох бу Орто дойдуга оло5ун табыллыа суо5а,сааһын тухары эрэйдэниэн.Кини эн үтүө санаалаах аҥарын буолар,онтон эн өһүөннээх,кырыктаах өттүн сүгэр аналлааххын.Иигирэлэр дьыл5алара оннук.Айыл5а айыытын утарыма,аҥардастыы баһылаама... Мин бу этиини да истибэккэ бэйэм эрэ дэлбэрийэбин,аҥарбар тугу да бэрсибэппин. Онтон эмискэ,олох билбэт сирбэр,кытаанах ба5айытык "күлк" гына сууллан түстүм.Ыарыыта бэрдиттэн: -Айыка,-диэн орулаабытынан уһуктан кэлбиккэ дылы буоллум.Ол эрээри бу сири хаһан да харахтаан көрө илик эбиппин.Салгына баттыыра то5о сүрэй,нэһиилэ эрэйдэнэн атахпар турдум.Этим-сииним ыбыс-ыарахан,хамсанарым олох бытааран хаалбыт.Ийэм иһигэр сылдьарбын түүһээтим дуу,диэн түүлбүн ырыта сатыы турдахпына: -Айаал,Айаал бу баарбын,бу диэки хайыс,-диэн ой дуораанын курдук саҥа иһилиннэ.Ити Сулусчаана куолаһа дии,мин эндэппэккэ биллим да,салгын баттыыра бэрдиттэн,өр да5аны эргиллэн,ол диэки хайыстым.Мин иннибэр Сулусчаана илэ бэйэтинэн турар...Ханан да5аны саас ылбыт көрүҥэ суох.Хата ситэн-хотон өссө эбии тупсубут курдук.Уруккутун курдук,сиртэн-буортан тэйбит муус-маҥан таҥастаах,кып-кыһыл уостаах,нап-нарын быһыылаах. -Сулусчаана-аа,-мин тугу барытын умнаммын,утары сүүрэн тиийэн кууһан ылыахпын ба5арбытым да,илиим-ата5ым олох истибэт.Хамсанарым бытаана диибин диэн...Онно дьэ өйдөөн көрбүтүм,кини турар өттө сып-сырдык,күп-күөх эбит.Солко былаат тыалга тэлибириирин курдук,араас дьэрэкээн өҥнөөх,сүүнэ улахан үрүмэччилэр көҥүл көтөн дайа сылдьаллара.Үрүмэччилэри кытта тэҥинэн,Сулусчаанам барахсан үҥкүүлээн эрэрдии,чэпчэки бэйэлээхтик дайара.Онтон мин турар сирим то5о эрэ хабыс-хараҥа,салгын тиийбэтэ тыынарга ыарахана сүрдээх.Сулусчаана,мин араастаан хамсана сатаан эрэйдэнэрбин көрө-көрө,туттуммакка ыйа-ыйа күллэ: -Айаал,эрэйдэнимэ,хамсана сатаама...Эн атын кэмҥэ сылдьа5ын...Мин атын кэмҥэ баарбын...Эн бу дойдуга кэлиэн ыраах...,-диэн тугу эрэ быһаара сатаабыта да,соччо өйдөөбөтөҕүм. -Сулусчаана-аа,бырастыы гын,-эдэр сааһым ал5астарын санаан,хара5ым уута ыгыллан тахсыбыта.Сулусчаана миигин аһыммыттыы утары көрбүтэ. -Айаал,эйигин ал5аабыт ойуун,барытын миэхэ тиэрдибитэ.Көнө суолу тутуспутун олус үчүгэй. -Ол хайдах тиэрдибитэй? -Ону мин сатаан быһаарбаппын.Хата дойдугар кэлбитин үчүгэйиэн.Киһиэхэ төрөөбүт дойдута күндү,өйүн-санаатын сай5ыыр,күүс-уох эбэр аналлаах...Бу түгэни өр да кэтэстим... -То5о миигин дойдубар "Абааһы уола" диэн ааттаабыттарый? -Эйиэхэ хос эһээбит илбиһин иҥэрбит,ону эн билбэккин,кини "сиэмэх ойуун" этэ...Биир кэмҥэ баар эрдэхпитинэ,төһө кыалларынан,эйигин онтон араҥаччылыы сатаабытым...Кэлин,кини эйигин баһылаан,атын кэмҥэ мунан хаалбытын...,Мин эйигин була иликпин...,Буллахпына...,-диэн түүл-бит курдук тугу эрэ кэпсээн эрдэ5инэ,дьикти бэйэлээх тыас тохтоло суох чаҥыр5аабытыгар соһуйан олоро биэрбитим.Убайым эрийэр эбит.
-Дьэ манна алдьархай буолбут,сотору тиийиэм. -Ол туох буолбутуй? -Тиийдэхпинэ кэпсиэм.Хомунан бэлэм олор. Убайым сааһын тухары милииссийэ5э үлэлээбит буолан,элбэ5и туойа барбакка,быһа бааччы соруйан кэбиспитэ.Биэнсийэ5э тахсыбыта сыл эрэ буолла. Мин көһүйэн ыараан хаалбыт эппин,илиибин өрө уунан,тыыллаҥнаан көннөрбүтэ буола олордохпуна,үп-үрүҥ хахханым баарын биллэрэн "дьэ ба5арбыккын иһиттин ини" диэбиттии оргууй кистээн уһуутаабыта уонна аарыма кынаттарын саратан,мастар быыстарынан көтөн,сүтэн хаалбыта.Олох илэ курдук,дьикти түүлү көрбүппүттэн дьиксинэ олорбутум.Халлаан сырдаабыта быданнаабыт.Ол да буоллар аһа5ас халлаан анныгар,хатыҥҥа өйөнөн,хонон турдарбын олох да5аны тоҥмотохпун,төптөрүтүн дэлби тириппит этим.Хата этим-сииним ыараабыта баар курдуга,нэһиилэ мөхсөн туран,араастаан хамсанан оннубар түспүтүм.Күһүҥҥү күн,бу орто дойдуну сылыттарбын ханнык диэбиттии,араастаан адаарыспыт үөт мастар үрдүлэринэн,биир да былыта суох,ып-ыраас халлааҥҥа ыйанан турара. Сотору убайым көтүтэн кэлбитэ: -Хайа,балыгын ханнаный? Кураанах турарбыттан соһуйан,балыкпын көрдөөн ол-бу диэки көрүтэлээбитэ. -Суох,балыктаабатым. -Эмиэ да итирбэтэх курдуккун,түүнү быһа тугу гына сыттын эбитэ буолла? Убайым дьээбэлээхтик мин диэки көрөн мичик гыммыта.Кырдьык да5аны бытыылкалаах этим дии,аны итирэн ону-маны көрөн дьаабыламмытым буолаарай? Диэн хайдах эрэ,бэйэбин итэ5эйбэккэ саарбахтаан,бытыылкабын көрдөөбүтүм.Үчүгэй ба5айытык хаппахтанан,сир ортотугар хороллон турарын булан ылбытым.Бэрт кыратык көҕүрээбит,ити аайы итирбэтим ини. -Бу бытыылканы хайыыбыт? -Хаалларар буолла5ын дии,төптөрү илдьэ барарбыт соччото суох буолуо. Ити курдук сып-сап хомунан,ыксалынан айанныы турбуппут.Адаарыспыт үөт мастар быыстарыттан собус-со5отох,көбүс-көнө,муус-маҥан хатыҥ сайыспыттыы далбаатыырга дылы буола хаалбыта.
Убайым саҥа мотуордаах тыыта сүүрүгү билиммэккэ,ууну таарыйар таарыйбат өрө көтөҕүллэн элээрдэн испитэ. -Туох алдьархайа буолла? -Ыстапаанын бу түүн таҥаралаан хаалбыт.Эйигин следователь ыҥыттарда,ону-маны ыйыталаһара буолуо. -Тыый ол хайдах? Өлөр санаата суох муус чэгиэн олорбута дии. -Эмискэ сүрэ5э тохтоон хаалбыт диэбиттэр быраастар. Дьэ,буолар да эбит.Ол түүн Ыстапаан тугу эрэ буолары-буолбаты тыллаһар этэ ээ."Ол аата кэмим кэлбит...Аны эйигин көрсүбэтэх киһи...Абааһы уола..." игин диэн мээнэ-мээнэ саҥарталаабыта.Ити курдук ону-маны ырыта саныы олордохпуна,кытылга тиксэ охсубуппут. -Мин массыынабынан кэлбиккин дуу? -Ээ,эйиэнинэн.Бэйэм массыынам эстибэккэ моһуоктаабыта.Чэ,бэйэҥ урууллаа,бара охсуохха. Милииссийэ дьиэтин иннигэр кэлэн тохтообуппут.Бу дьиэ мин киһини өйдүүр буолуохпуттан,бу курдук түннүгэр диэри сиргэ батары түһэн,самнайан турар.Иһэ бүтүннүү ап-аһыы табаах сыта.Киирэн истэхпитинэ икки милииссийэ,маатыра-куутура бөҕөннөн,хара сарсыардаттан итирэн хаалбыт киһини,умсарыта анньыалаан,киллэрэн хаайан кэбиспиттэрэ.Киhилэрэ хаалсыбакка тэбис-тэҥҥэ үөхсэрэ.Милииссийэлэр үөрэнэн хааланнар онно эрэ кыһаллыбат курдуктара. Биhиги аналлаах кабинеппыт аанын аһан киирэн кэлбиппит,урут мин дьыалаларбын ыыппыт следователь хороллон олорор эбит.Батта5а төһө да маҥхайдар тута билбитим.Убайым ол киhини кытта илии тутуһан дорооболоспута уонна атын дьону кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ ханна эрэ тахсан баран хаалбыта. -Дьэ эрэ,быраат дорообо.Ыстапааммытын хайдах өлөрөн кэбистиҥ,сиһилии кэпсээ эрэ.Бу сырыыга ба5ас куоппат инигин.А то,икки төгүл ууттан кураанах тахсыбыккын өйдүүбүн ээ,-диэн киһи өлбүтүгэр олох да кыһаммакка,миигин күлүү-элэк оҥостубута.Табаа5ын уматтан бур5аппыта. Мин хайдах баарынан кэпсээбитим,онтон кумаа5ыга суруйан биэрбитим.Следователь сиэбиттэн ачыкытын хостоон таһааран кэппитэ уонна хас биирдии тылы кичэйэн өр да5аны ботугураан аахпыта. -Оннук буолумуна,атыыласпыт арыгыгар дьаат кутан баран,бэйэҥ испэтин чуолкай буолла5а. Мин саҥата суох истэн олорбутум. -Урут тастыҥ убайыҥ тоҥон өлөрүгэр,быраатын бастакы көрдөрүүтүнэн,түүн туран таҥнан таһырдьа тахса сылдьыбыт эбиккин.Убайгын онно дьаһайдын ини.Кэлин быраатын көрдөрүүтүн уларытан кэбиспит этэ. -Сарсыарда эрдэ туран тахсыбыппын бутуйда ини. -Эс,саас этэ дии.Халлаан хараҥатыгар дуу,сырдыгар дуу тура сылдьыбыккын араарбат далай акаары о5о буолбатах этэ быраатын.Захаараптар дьиэлэрин да5аны,эн умаппыккын дакаастыыр кыа5ым суох эрээри,ыаллар ыттара үрбүт бириэмэлэринэн сирдэттэххэ оруобуна эн суолун тахсан кэлэр.Дьэ быраат,дьикти диэбэккин дуо? Бу киһи ону-маны туойан,аны ыт үрбүтүнэн сирдэтэн киһини балыйа сатаата5ай. -Чэ бар,киэр буол аны икки харахпар көстүмэ,"Абааһы уола",-диэн абарбыттыы сыбыйан таһаарбыта. Мин "Абааһы уола" аатыран,ыт курдук холдьо5уллан тахсыбыппыттан кыһыйан,массыынабар олорбутум да куорат диэки түһүнэ турбутум.Милииссийэлэри кытта этиһэн да диэн,туһа суох.
Кыһыйбытым оччото эбитэ дуу,хара5ым тэстэринэн көрөн,суол устун муҥур кыраайбынан көтүтэн испитим.Кэннибиттэн быыл өрө ыһыллан,бур5айа олороро.Көр эрэ маны өссө "Абааһы уола"диэбит буола-буолалар.Убайым дьону кытта ити кабинеттан тахсан эрдэ5инэ атын милииссийэлэр саба сырсан кэлэн,өҥөйөн миигин көрө-көрө: -Дьону сиир абааһылаах быраатын ити олорор дуо? Диэн ыйытан эрэллэрэ. Ол аата дойдум бүтүннүү туолбут буолла5а.Ким үллэрэ-үллэрэ кэпсии сылдьара буолла.Чэ ким да буоллун мин онно эрэ кыһаммаппын.Ити курдук абабын таһааран харса суох көтүтэн истэхпинэ убайым эрийэн саайбыта,мин туормаспын үктээн,хорос гына тохтуу түспүтүм. -Ханна куотан хааллын?О5о5о дылы куттуу сылдьа5ын. -Куораттаан иһэбин! -Онтон манна,мин дьиэбэр хаалбыт таҥастаргын хайыыбыный? -Хайыаххыный,уоттаан кэбис! -Уоттуом да5аны... Убайым туох эрэ диэн эрдэ5инэ түлүпүөммүн арааран кэбиспитим.Ити убайым туох буруйдаа5ар бардьыгынаан кэпсэппитим буолла.Кырдьык да кыра о5о5о дылы куттуу сырыттахпын.Дьэ,дойдубун ахтан а5ай кэлбитим ханна баарый.Мин дэлби кэпсинэн уруулбар умса түһэн олорбутум.Төрөөбүт дойдум өйбүн-санаабын сай5аабыта,күүспэр күүс эппитэ ханан да суох.Барыта таҥнары...Бэйэ эрэ ол эрээри...Истибэтэхпин истэммин,билбэтэхпин биллим буолба-аат.Ити Сулусчаананы илэ көрдүм дуу,түүһээтим дуу.Олох илэ курдук этэ дии.Үөһээттэн курулаан кэлэн күүскэ ба5айы сууллан түспүтүм өттүгүм өссө да ыалдьар курдуга.Кырдьык-хордьук ойон туран ыстааммын сулбу баттаан көрүммүтүм,өттүгүм бүтүннүү көҕөрөн,иһэн тахсыбыт этэ.Мин саҥа таһааран: -Тыый,-диэн соһуйбутум.Итэ5эйбэккэ иккистээн көрүммүтүм,олох илэ күп-күөх. Өйбүн-төйбүн сааһылаан олохпор тиэрэ түһэн сыппытым.Сулусчаана туох диэтэ этэй? Хос эһээбит сиэмэх ойуун,кини илбиһэ эйиэхэ иҥпит...Эн атын кэмҥэ сылдьа5ын... Ол аата мин эттикпэр хос эһээм дууһата киирэн сырытта5а дуу,онтон бэйэм дууһам ханнык эрэ атын кэмҥэ муна сырытта5а буолуо.Ол иһин хаһан да үөрбэт-көппөт,туох да иэйиитэ суох киһи буолла5ым буолуо.Арай Сулусчаана эрэ тиийэн кэллэ5инэ киһилии үөрэрим,санаам көтөҕүллэрэ.Сиэмэх ойуун диэн хайда5а эбитэ буолла,бу диэн кими да5аны кыраан мэҥиэстэн эрэрбин өйдөөбөппүн.Эбэтэр дьон хаһан өлүөхтээ5ин бэйэм да билбэппинэн билгэлиибин дуу.Ба5ар онтон дьон көҥдөйдүү куттанара буолуо.Ол эрээри чугас дьонум утуу-субуу өлбүттэрэ дьикти.Валям өлбүтүн кэннэ үс сыл буолан баран биир дьахтары кытта билсибитим.Холбоһуох буолан сөбүлэһэн,кэпсэтэ сырыттахпытына,дьахтарым биир түүн эмискэ өлөн хаалаахтаабыта эмиэ дьиктилээх. Бу олорон Ыстапаан сарсыарда диэкинэн лаппа итирэн баран,киһи кулгаа5ар батан киирбэт кэпсээнин санаан кэлбитим.
Биир киэһэ ааннарын хатанан,ороннорун оҥостон,утуйаары бэлэмнэнэ сылдьыбыттар.Дьиэлээхтэр бары сыппыттарын кэннэ,Ыстапаан куукуна5а кыра уоту холбоон,хаһыат аа5а олорбут.Ол олордо5уна мин киирэн кэлбиппин.Ахсынньы ый ортото да буоллар сыгынньах сылдьар үһүбүн.Киирээт да ийэтэ сытар хоһун диэки ааһа турбуппун,Ыстапаан олох да соһуйбакка кэннибиттэн батыһа көрөн хаалбыт,атын да дьиэлээхтэр көрбүттэр да соччо кыһамматахтар.Киирэн ийэтин оронугар олорбуппун уонна тугу эрэ саҥарбыппын,ону ким да өйдөөн истибэтэх.Ол курдук төптөрү тахсан бара турбуппун.Онтон ийэтэ: -Ити уол тугу гына бачча хойут киирэ сылдьарый? Диэн ыйыппыт.Дьэ онно соһуйан ууга-хаарга түспүттэр.Ааннара хатаммытын курдук хатанан турарын итэ5эйбэккэ бары туран көрбүттэр. Бу түгэн кэнниттэн ийэлэрэ ыалдьан уһаабата5а.Биллэн туран ол кэмҥэ миэхэ да5аны,дьоммор да5аны тугу да кэпсээбэтэхтэр. Ол аата мин билигин "Абааһы уола" диэн ааттаах сиэмэх ойуун буола сырытта5ым.Хаһан да5аны харахтаан көрбөтөх хос эһээм,кэми-кэрдииһи курдаттаан анаан-минээн илбиһин миэхэ5э иҥэрэн кэбиспит буолла5а.Ону бэйэм хайдах да оройбор батаран киллэрбэппин,сатаан өйдөөбөппүн.Аҥарын тыыннаахтыы Орто дойдуга көрбөтөх иигирэ биир аҥарын эрэйэ буолла5а дуу? Ол эрээри Сулусчаана "буллахпына..." диэн эрэрэ,ол аата көрдүү сырытта5а.Кини миигин хаһан буларын кэтэһиэм да кэтэһиэм.
Сулус уола
16 декабря 2014
Күндү аа5ааччыларым,манан кэпсээним бүтэр.Аны сэттэ сылынан,ол эбэтэр 56 сааспар туох эмэ уларыйыы та5ыста5ына суруйуом.
дина
16 декабря 2014
син биир хаьан суруйаргын кэтэьиэмСулус уола,дьолу–соргуну ба5арабын, барыта этэннэ буолуо диэн эрэнэбин )))
Мария 16 декабря 2014
оо сулус уолаЭрдэ буллун эрэ Сулусчаана. Сэттэсыл кэтэьэр кыах суох.
кэт
17 декабря 2014
сулускаНаһаа элбэҕи көрөр эбиккин дии,мин түһээн сотору буолуохтаах эрэ кэми көрөрбүн. А так эмиэ халлааҥҥа көтөччүбүн. Өссө элбэҕи түһүүбүн да умнан кэбиһэбин бх уонна сатаан тойоннообоппун
Сулус уола - 30 июня 2014 22:59
Мин о5о эрдэхпинэ утуйаары сыттым да ону-маны,буолары-буолбаты санаан олох уум көтөн хаалар идэлээ5э.Саныыр санааларым да киhиттэн ураты со5ус буолаллара.Халлаан куйаарга кыырайа көтөн тахсан,ыраах да ыраах сандаара күлүмнүүр,араас дьэрэкээн сулустарга тиийэрим.Хас сулус аайы дьикти бэйэлээх хамсыыр харамайдар,эрийэ-буруйа үүммүт,сирдээ5и окко-маска,сибэккилэргэ маарынныыр,араас үүнээйилэр то5уоруспут буолааччылар.Сорох сулустарга киhиэхээ маарынныыр иннинэн сирэйдээх,кэннинэн кэтэхтээх,икки атахтаах дойдуланан олорорун үгүстүк көрөөччүбүн.Бу "дьон" эмиэ да киhилии тылынан,эмиэ да ханнык эрэ төрдө биллибэт тылынан саҥа таһааран кэпсэтэр буолаллара. Оннук түүн аайы ахсаана биллибэт үгүс элбэх сулустарга ыалдьыттаатым ини,ыалдьыттаабатым ини.Ол тухары тугу эрэ көрдүүр курдугум.Тугу көрдүүрбүн бэйэм да билбэт этим. Биир түүн эмиэ тыhыынчаннан сулустары нөҥүө көтөн,аата биллибэт үтүө да "дьонноох" сулуска тиийэн,аа-дьуо дьаарбайа сырыттым.Киhиэхээ маарынныыр харамайдар бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэ-кэпсэтэ,төптөрү-таары бараллар-кэлэллэр,ол быыhыгар тоҥхоҥноон миигин кытта дорооболоhон ааhаллар.Мин эмиэ э5эрдэлээн утары тоҥхоҥнуубун.Ити курдук куорат диэххэ куорат буолбатах,уулусса диэххэ уулусса буолбатах,туох эрэ устун саҥаттан саҥа дьиктини,дьээбэни көрө-көрө,сэҥээрэн саҥа аллайа-аллайа хааман истим.Ол истэхпинэ кэннибэр дьэрэкээн бэйэлээх сирдээ5и куолас дуораhыйан соhутта: -Айаал,мин эйигин өр да күүппүтүм,хата кэллин дии. Эргиллэ биэрбитим бэйэм саастыы кыыс о5о,сирэйин саба туттан,сэрэйдэххэ мичээрдээн күлүмнүү турар этэ. -Эн кимҥиний? -Мин эйиэхэ тугу эрэ көрдөрүөм,-диэт кыыс илиибиттэн сиэттэ уонна миигин соспутунан,көтө былаан иннин хоту сүүрэ турбута. Өр өтөр буолбатахпыт,алаас диэххэ алаас буолбатах,хонуу диэххэ хонуу буолбатах,иэнэ биллибэт киэҥ нэлэмэн күп-күөх дьэрэкээн бэйэлээх сиргэ биирдэ баар буола түспүппүт.Манна солко былаат тыалга тэлибирээн эрэринии,араас кэрэ дьүһүннээх сүүнэ улахан үрүмэччилэр биhигини үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. -Бу мин дьиэм,-диэбитэ кыыс. -Ханна баарый,дьиэ5ин көрбөппүн дии? -Бу барыта мин дьиэм.Мин дьиэбэр саас-үйэ тухары сырдык,эһиги дойдугут сайынын курдук. Билбэт кыыспынаан түүнү быһа,күнү быһа эбитэ дуу, дуоhуйуохпутугар диэри сүүрэн-көтөн,мэниктээн мин дойдубар төннөр кэмим кэлэн арахсыбыппыт. Бу күнтэн ыла мин түүн аайы аата биллибэт сулуска чопчу туhаайан тиийэр буолбутум.Саҥа билсибит кыыспынаан оонньуу-көрүлүү сылдьарым үчүгэй да этэ,дьоллоох да курдук сананар этим. -Бу туох дьикти кэрэ дойдутай? Диэн киниттэн үгүстүк ыйытар этим да: -Кэмэ кэллэ5инэ бэйэҥ билиэҥ,-эрэ диир этэ. Биhиги олох ыкса до5ордуу буолбуппут.Сирдээ5и оло5ум халлаан куйаардыын ситимнэспитэ.Манна диэн эттэххэ күнүһүн до5орбун олус ахтарым,суохтуурум.Бу кэмнэргэ мин баара суо5а биэс эрэ саастаах эбиппин.Туох дьикти абыгар ылларбыппын билбэппин. Көҕөрөр күөх сайын,От ыйыгар алта сааспын туолбутум.Буоларын курдук аймах-билэр дьоммут,до5отторум мустан бэлиэтээбиппит.Араас кэhии,бэлэх туттарбыттара,хай5ыыр-ал5ыыр тыллар этиллибиттэрэ.Ол эрээри мин санаам ханна эрэ ыраах сулустарга сылдьара.Кэрэ бэлиэ күммэр чугас до5орум суо5уттан хомойо олорбутум.Ону ийэм таба көрөн: -То5о үөрбэккин сыллыай,бүгүн эн күнүн дии? -Ээ биир чугас до5орум сатаан кэлбэт,мин кини кэлиэн ба5арбытым. -Ол до5орун хойутаан да буоллар хайаан да кэлиэ5э,хомойо олорума,үөрэ көрсөөр,-диэн баран тугу да сэрэйбэт ийэм барахсан сүүспүттэн сыллаан ылбыта. Кэмниэ кэнэ5эс кэтэhиилээх түүнүм сабардаан бүрүйэн кэлбитэ.Мин халлаан куйаар диэки,тыhыынчаннан сулустар быыстарынан до5орум дойдутун туhаайыытынан тобулбут суолбун тутан ыксаабытым.Тиийэн кэлбитим,до5орум хомойбут майгылаах көхсүн көрдөрөн олороро: -Айаал,эн бүгүн кэлиэ суохтаах этиҥ.То5о кэллиҥ? -Эйигинниин оонньоору.Төрөөбүт күммэр то5о кэлбэтиҥ?Мин эйигин кэлиэ диэммин күүппүтүм ээ. -Эн билигин улааттын,мантан ыла көрсөрбүт,оонньуурбут сатаммат,Дьыл5а хаан айыыта оннук.Бу күнтэн ыла мин эйигин араҥаччылыыр аналлаахпын,Орто дойдуга көрсүөххэ диэри,-диэн баран до5орум үрүмэччилэри кытта үрүмэччи буолан көтөн бара турбута.
Ити о5о сылдьан көрбүт көрүүлэрим барыта түүл эбитэ дуу,илэ эбитэ дуу? Билигин хайдах быhаарыахпын бэйэм да бутуллабын.До5орбун кытта арахсыбытым ыйтан ордук кэм ааспыта.Мин сайыны быhа таайбын кытта балыктаан,ыаллаа5ы о5олору кытта оонньоон-мэниктээн,сирдээ5и оло5унан олорон ол дьикти кыыhы умна да быhыытыйбытым.Ба5ар алта сааспын томточчу туоламмын улааппытым,боччумурбутум да буоулуо.Саныыр санааларым уларыйбыттара,түүн аайы халлаан куйаарынан дьаарбайбат буолбутум,оннук санаалар,түүллэр олох да5аны киирбэт буолан хаалбыттара. Биирдэ күһүн Бала5ан ыйыгар таайым до5отторун кытта хоно-өрүү өрүскэ балыктыы барар сура5ын истэммин,кинилэри кытта барсаары,ийэбиттэн көҥүллэтэ дьиэбэр тэбиммитим.А5ам тута көҥүллээбитэ,ийэм саарбахтыы түһэн баран сөбүлэспитэ.Дьэ,улахан да балыксыты дьиэ дьоно бүтүннүү тэрийэн,сарсыарда барсарга бэлэм буолбутум. Сарсыарда эрдэ таайым "Урал" матассыыкылынан көтүтэн кэлбитэ.Дьиэ5э киирбэккэ эрэ сигнааллаан бытарыппыта.Ийэм малбын-салбын,өйүөбүн тутан атаара тахсыбыта. -Айаал байанайдаах балыксыт,дьэ хайаан да бултуйар дьон буоллахпыт,-диэн таайым үөрэ-көтө миигин көтө5өн ылан кэлээскэ5э олордон кэбиспитэ. -Дьэ о5олоох сылдьан арыгылаан ыймахтана сылдьан көрөөрүн эрэ,-диэн ийэм быраатын мөхпүтэ буолбута уонна арыгытын илдьэ сылдьара буолаарай диэн кэлээскэни хасыhан көрбүтэ. -Эс,кэбис бачча улахан тойонноох сылдьан арыгылыы олоруохпут дуо. -Сэрэнээр олох. -Сөп,сөп,эдьиий олох долгуйума,сайыны быhа бииргэ балыктаатыбыт буолбаат,-диэн таайым матассыыкылын миинэн айанныы турбуппут. Таайым оннук улуу арыгыhыт буолбатах этэ.Ол да буоллар ый ата5ар баhыгар "тэп" гыннарар үгэстээ5э.Кини кырдьык да байанайдаах булчут,балыксыт этэ.Хара тыаттан хайаан да илии тутуурдаах,өттүк харалаах киирээччи.Оччолорго отуччалаах эрэ оройунан көрбүт уол о5ото буолла5а. Айаннаан бур5атан дэриэбинэттэн тахсыыбытыгар аргыс дьоммутун ситэн ылбыппыт.Эргэ "Планета" матассыыкыллаах дьону өр гыныахпыт баара дуо.Сырсыакалаhар кэриэтэ айаннаан начаас өрүскэ тиийбиппит.Таhа5астарбытын мотуордаах тыыларга таспыппыт уонна өрүс хаба ортотунан тус хоту түһэ турбуппут.Чаастан эрэ ордугунан аналлаах сирбитигэр тиийэн,тэринэ охсон балыктаабытынан барбыппыт.Улахан дьон хатыыска диэн "закидушкаларын" бырахпыттара уонна илим түһэрэ охсубуттара.Ол курдук күнү быhа балыктаан балай да хаптарбыппыт.Байанайбыт кырдьык да бэрсиэн бэрсибитэ.Түүн устата өссө да бултуйуохпут турда5а. Күһүҥҥү күммүт ар5аа саhан хараҥаран барбыта.Сайыҥҥылыы сып-сылаас түүн сабардаабыта,халлааҥҥа ахсаана биллибэт араас дьэрэкээн сулустар сандааран тахсыбыттара.Мин утуйар уубун умнан сулустары одуулуу олорбутум,хас биирди сулуhу билэр,ыалдьыттыы сылдьыбыт курдугум.Ол онно ханан эрэ мин до5орум сулуhа баар буолуохтаах,кини билигин тугу гына сылдьара буолуой? Кинилэргэ түүн диэн суох,куруук сырдык,ол аата утуйбаттара буолуо дуо? Оо,ол биир сулус туллан сындыыстыы сурулуу турда.Ити ким эрэ аналлаах сулуhа буолуохтаах,ол киhи оло5о түмүктэнэн эрдэ5э.Ити сулус оннугар хайаан да саҥа сулус сандаара тырымнаан үөскүөҕэ,ол аата саҥа олох төрүөҕэ. Ити курдук ону-маны саныы олорон нухарыйан барбытым.Биирдэ өйдөөбүтүм таайым туох эрэ дии-дии,күлэн ымаҥныы-ымаҥныы көтөҕөн илдьэн палатка5а сытыаран эрэр этэ.Сүүспүттэн сыллаан ылбытыгар арыгытын сыта иҥэн хаалбыт курдук буолбута. Сарсыарда тоҥон уhуктубутум,суор5ана да суох сытар эбиппин.Таhырдьа итирик дьон аймал5аннара сүрдээх.Бу санаатахха түүнү быhа утуйбакка арыгылаабыттар.Палататтан тоҥон ибигирии-ибигирии тахсан кэлбиппэр,таайым сүүрэн кэлэн,дьээбэлээн үөһээ-аллара быра5аттаабыта,дэлби мускуйан ириэрэ сатаабыта. -Айаал көр бу,эн саҥа хатыыс дии,бу маны эйиэхэ биэрэбин,ийэ5ин тиийэн үөрдээр.Бэйэм туппутум диэр,-диэн баран кытылтан кырдьык да сүүнэ улахан,өссө да тыыннаах хатыыhы ойутан таhааран иннибэр салыбыраппыта.Мин соhуйан ытыы-ытыы олоро түспүтүм. -Тыый тойоммут ытаан эрэр дуу,-диэн бары да итирик дьон миигин сааратан барбыттара. Ити курдук сыыhа халты хомунан дьиэбитигэр төннөөрү бэлэмнэнии буолбута.Биир киhибит итирэн олох да буорайаахтаабыт этэ.Илим хомуйа сылдьан ууга баран түспүтүн нэhиилэ ороон таhаарбыттара.Илимтэн балыгын да5аны араарбакка суулуу тутан таайым тыытыгар быра5ан кэбиспиттэрэ.Дьэ онтон түҥ-таҥ айаннааhын буолбута.Дьоммут тыыларын эстилэр да хайыhан да көрбөккө көтүтэ турбуттара,биhиги то5о эрэ тардыллан хаалан хаалбыппыт. -Дьэ эрэ Айаал,иннигэр уруулу тутан олор уонна харса суох уҥа-хаҥас эрийэн ис,төһөннөн түргэнник эрийэ5ин да оччоннон түргэнник айанныахпыт.Ити дьону ба5ас начаас ситэн ааhыахпыт,-диэт таайым мотуорун эспитэ да үөс диэки түһүнэн кэбиспитэ.Мин кырдьык хордьук уруулбун харса суох эрийэрим.Уруула холбоммокко сылдьар да буоллар санаабар тыыбыт балай да түргээн биэрэр курдуга.Таайым айа5а хам буолбакка тугу эрэ кэпсиирэ,ол быыhыгар ырыата өрүһү биир гына дьиэрэйэрэ. -Оол-ол,көрөҕүн дуо?Ол баран иhэллэр.Билигин биhиги кинилэри саба баттаан ааhыахпыт,-диэн гааhын өccө эбэн биэрбитэ.Эмискэ тыыбыт туохха эрэ сааллан өрө хойуостан эрэр курдуга да, мин халлааҥҥа кыырайа көтөн тахсыбытым.Онтон тыбыс тымныы ууга төбөм оройунан дьулус гынан хаалбытым.Быыкаайык да буолларбын балай да ууhут этим,өрүс кытылын о5ото буоламмын араастаан харбыыры сатыырым.Саппыккыларбын тэбиэлээн устан кэбиспитим уонна көхсүбэр тиэрэ түһэн,кууркабын уста сатыы-сатыы,түбэһиэхчэ инним хоту харбаан барбытым.Мин дьолбор төбөбүнэн ба5ана5а кэтиллэ түспүтүм,эргиллээт кууhан ылбытым.Кыах баарынан кытыл диэки салайа сатыырым да күүс тиийбэт буолла5а.Сүүрүк устун оргууй устан бара турбутум.Кэмниэ кэнэ5эс сэниэм эстэн,саатар ба5анам ньылбархайа бэрт буолан,сотору-сотору ыhыктан кэбиhэ-кэбиhэ тутуhар буолбутум.Соро5ор олох да ба5анам анныгар киирэн хааларым. Тутуhар кыа5ым баранан,ба5анам үрдүгэр тахсан сытаары олох да ыhыктан кэбиспитим,ба5анам уста турбута.Күнүм харааран,дьэ бүттүм диэн,өсөһө-мөхсө сатаабакка,букатын бэринэн тимирэн иhэн көрбүтүм кып-кыhыл тумустаах,муус-маҥан кэрэ да кэрэ куба мин үрдүбүнэн эргийэ көтө сылдьар этэ.Онтон са5абыттан ылан кытыл диэки соhон эрэрэ. -Манна сыт Айаал,эйиигин хайаан да дьон булуо5а,-диэбитэ. -Эн кимҥиний? Мин ким буоларын сэрэйдэрбин да5аны то5о эрэ син-биир ыйыппытым. -Эн миигин билэ5ин ээ. -Эн миэхэ кэллиҥ даа? -Мин куруук чугас буолуом,-диэн баран күөх халлааҥҥа кыырайа көтөн тахсыбыта. Ханна эрэ чугас дьон айманар саҥалара иhиллибитэ.Тиийэн кэлэн,миигин ньылбы сыгынньахтаан,кураанах таҥаhы таҥыннаран бөһүөлэккэ тиэрдибиттэрэ. Ити сыл мин до5орум хаста да көстөн ааспыта,соро5ор кэпсэтэн ыларбыт.Ким эмэ киирэн кэллэ да кини сүтэн хаалара уонна өр да өр кэлээччитэ суох. Таайбын ити күн булбуттар этэ.Мотуорга төбөтүн хайа о5устаран уонна илимигэр эриллэн хаалан быыhамматах.
Ити сыл до5орум миэхэ хаста да кэлэ сылдьыбыта.Кэллэ5ин аайы тугу эрэ эрдэттэн сэрэтэр курдук таайтарыы былаастаан кэпсиирэ да,мин оҕо буоллаҕым,улахаҥҥа уурбат этим.Кинини кытта оонньуурбун эрэ ордорон кэтэhэрим,суохтуурум. Ол курдук сайыммыт эмиэ тиийэн кэлбитэ.Биhиги тыа о5олоро,от үлэтэ саҥаланыар диэри,күнү күннүктээн балыктаан,сөтүөлээн аралдьыйарбыт.Сэттэ сааспын туоларым а5ыйах хонук хаалбытын кэннэ,биир күн эмиэ тыбыс-тымныы ууга күнү быhа сөтүөлээн ыалдьан хаалбытым.Киэhээ дьиэ кэргэн бука бары сыбаайба5а барыахтаах этибит да,мин барар кыа5ым суох буолла5а,этим суоhа сүрдээх этэ.Эбээм эмээхсин миигин ыарыылыы хаалбыта.Хомунан,таҥнан-симэнэн бары барбыттарын кэннэ,эбээм куукуна5а тугу эрэ гына сылдьыбыта,мин улахан хоско дьыбааҥҥа нухарыйа сыппытым.Ол сыттахпына арай оhох кэнниттэн кып-кыра,муус-маҥан,кып-кыhыл тумустаах,быыкаайык куба ыстаҥалаан тахсан кэлбитэ.Моонньун хамсатан "эккирэт" диир курдуга.Мин ойон туран сырсыбытынан барбытым.Онтон сыыйа-баайы үөрэн-көтөн,тэбис-тэҥҥэ оонньоhо сылдьарбын бэйэм да5аны өйдөөбөккө хаалбытым.Онтон до5орум эмискэ холоруктуу ытылла түспүтэ да,кылбаа мааны куба5а кубулуйан хаалбыта. -Айаал,биhиги аны өтөрүнэн көрсүбэппит,барыта этэҥҥэ буолуо.Миигин умнумаар,-диэбитэ уонна хайдах эрэ дьиэбитин дьөлө көтөн,күөх халлааҥҥа кыырайа көтөн тахсыбыта. Эргиллэн көрбүтүм кэннибэр эбээм барахсан соhуйбут дуу,дьиктиргээбит дуу харахтарынан куба көтөн тахсыбыт сирин тобулу одуулаан тураахтыыр этэ. Киэhээ дьонум сыбаайбаттан кэлэллэригэр мин ыалдьыбыт сибиким да суо5а.Убайбын,бырааппын кытары тэбис-тэҥҥэ мэниктэспитим. Эбээм ити түэни дьоҥҥо кэпсээбитин оччолорго да5аны,кэлин да5аны истибэтэ5им.
Сыл-хонук ааhан испитэ.Этэҥҥэ тохсус кылааhы бүтэрэн, уон алта сааспын туолан,уол о5ото буола хороччу улааппытым.Бу сыллар тухары биирдэ да5аны ыалдьыбата5ым,барыта этэҥҥэ этэ.Санаабыт санаабын барытын ситиһэн иһэр курдугум. Кыыс аймахха харахпын хатыыр кэмим кэлбитэ эбитэ дуу,улаатан олоххо интэриэhим уларыйан,до5орбун олох да умна быhыытыйбытым.Маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэммит кыыспын кытта до5ордоhор буолбутум.Бииргэ киинэ5э сылдьарбыт,соро5ор кулуубка улахан дьоҥҥо аналлаах үҥкүүлэргэ сылдьарбыт. Ити сайын спортивнай лаа5ырга сылдьар буолбутум.Тыа о5олоро буоллахпыт,күн аайы окко үлэлии-үлэлии,дьарыктанар этибит.Биирдэ ыраах ба5айы дэриэбинэ5э палааталанан олорон күрүө тута сырыттыбыт.Атырдьах ыйа да буоллар куйаас да куйаас күннэр тураллара.Тиритэн,буhан-хатан үлэлии сырыттахпытына биир уол кэлэн: -Айаал, биhиги сөтүөлүү бараары гынныбыт,ол онно улахан ба5айы күөл баар эбит,барса5ын дуо? -Тыый,тренербит сөтүөлүүрү боппута дии. -Ээ,хантан билиэ5эй,лаа5ырга тиийиэхпитигэр диэри туруусукпут куурар буолла5а. Кырдьык да5аны,бачча куйааска сөтүөлээбит да киhи куhа5ана суох буолуо этэ,дии санаабытым: -Чэ бардыбыт. Сыгынньахтана-сыгынньахтана сүүрэн кэлбиппит да5аны, тыбыс-тымныы чүөмпэ5э ыстанан кэбиспиппит.Умсан тахсаат, кэннибинэн тиэрэ түһэн,харбаан иhэн эмискэ о5о сааспын,до5орбун саныы түспүтүм.Улаханнык ыалдьаары гыммыппын хайдах эрэ эрдэттэн сэрэйбитим.Оннук да буолан тахсыбыта.Икки хонон баран бастаан күөмэйим ыалдьыбыта,этим суоhаабыта,ол да буоллар акаарыбар тулуйан өссө хас да күн о5олору кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлээбитим.Дьиэбитигэр барарбыт саҥана бары сүһүөхтэрим саллаччы иhэн хаалбыттара,нэhиилэ хаамар буолбутум.Оннук дьиэбэр кэлээт,дьыбааҥҥа охтубутум да,утуйан хаалбытым.Ким да суох этэ.Киэhэлик дэлби хаба5аран уhуктан кэлбитим.Ойон тураары гыммытым,илиим,ата5ым хамсаабат буолан хаалбыттар этэ.Ыстааммар ииктиэм дуо,дьыбааммыттан сыыллан түспүтүм уонна таhырдьа диэки сыыллыбытым.Төһө өр айаннаабытым эбитэ буолла,нэhиилэ дьиэм кирилиэhиттэн эрэ түспүтүм уонна тулуйар кыах суох этэ.Сытан эрэ ииктээбитим.Онтон көмө көрдүү уулусса диэки сыыллыбытым,ол быыhыгар хаhыытыырым.Олбуор аанын аннынан сыыллан уулусса5а тахсыбытым,кыра о5олор оонньуу сылдьаллар этэ. -Скорайда ыҥырын,түргэнник,-диэн ыган таhаарбытым.О5олор куттанан буолла5а буолуо,олбуордарын иhигэр чылыпыс гынан хаалбыттара.Онтон ийэлэрэ тахсан кэлбитэ уонна: -Тыый,итирик киhи сытар,дьиэ5итигэр киирэ охсун,-диэн о5олорун буойталаан эрэрэ. -Мин,Айаалбын,скорайда ыҥыр,-диэн хаhыытыы былаан этэн эрэрим да,хайдах истибэтэ5э эбитэ буолла.О5олорун кытта дьиэтигэр киирэн хаалбыта. Олох өйбүн сүтэрэн эрдэхпинэ,хата мин дьолбор биир нуучча дьахтара ааhан иhэн,тардыалаан көрбүтэ. -Помогите,скорую...-эрэ диэбитим.Бу дьахтар скорайы ыҥыран,бүөбэйдээн балыыhа5а киллэрбитэ.Онтон ханна эрэ арыы түгэ5эр оттуу сылдьар ийэлээх,а5абын булаттаан а5алтарбыт этэ. Ийэлээх,а5ам кэлэн көрсөн баран,киэhээ дьиэлэригэр барбыттара.Мин укуолланан игин арыый бэтэрээ кэлбит курдук буолбутум.Ол да буоллар турар кыа5ым суо5а.Палатам иhигэр алта орон турара,ыарыhахтар тугу гыныахтара баарай,хаартылаан аралдьыйа олорбуттара.Сотору-сотору күлэн то5о бараллара: -Туй-сиэ,бу баар эйиэхэ,эбиитин бу куоhуру уоптарабын. -Эмиэ хоттордум дуу,хаарты-маатыска бүгүн отой мэлиттэ буолбаат. Ити курдук дьон кэпсэтэллэрин истэ сыттахпына,муус маҥан халааттаах,кып-кыhыл уостаах,кэрэ да дьүһүннээх,бэйэм эрэ саастыы көрүҥнээх быраас киирэн кэлбитэ.Аттыбар олорон,эргитэ сылдьан иhиллээбитэ,атахпын,илиибин тоҥсуйан көрбүтэ.Тутара-хабара киhиттэн эрэ ураты сылаас,сымна5ас этэ.Нап-нарын тарбахтарынан имэрийбитэ-томоруйбута уонна: -Чэ дьиэ5эр бар,үтүөрбүккүн,-диэбитэ уонна тахсан бара турбута. Мин бастаан үөрбүтүм а5ай,онтон туох да эмп анаабата дии,диэн саныы биэрбитим да ойон туран кэнниттэн эккирэтээччи буолбутум.Ыстааммын тардыммытым да палататтан ойон тахсыбытым,көрбүтүм соччо ырааппатах этэ. -Бэйэ тохтоо,онтон туох эми аныыгыный,тугу эмтэнэбиний? Дии-дии кэнниттэн сырсыбытым. Бырааhым уhун көрүдүөр устун хааман иhэн биир палаата5а киирэн хаалбыта.Ыраахтан көрдөхпүнэ санаабар мин диэки хайыhан мичээрдээн ылбыта.Мин сүүрэн кэлэн палаата5а көтөн түспүтүм,дьахталлар сарылаhа түспүттэрэ.Дьахталлар сытар палааталара эбит этэ.Кытарыахпар диэри кыбыста-кыбыста палатабар төннөн кэлэн таҥныбытым уонна испэр ити бырааhы үөхсэ-үөхсэ дьиэм диэки бара турбутум. Палатам дьоно хаартылыылларын быыhыгар: -Хайа өлөн эрэр киhибит тиллэн кэллэ буолбаат. -Ханна бардыҥ? Дэhэ хаалбыттара. Туох да буолбата5ын курдук дьиэбэр киирэн кэлбиппэр ийэм өмүрэн тиэрэ баран түһэ сыыспыта.Онно дьэ соhуйбутум,хайдах хаамар буолан хаалбыппын сатаан өйдөөбөтөҕүм.Арай эбэм эмээхсин мин диэки бэрт дьиктитик көрөрө,онтон ыҥыран ылан,хаhан да сыллаабат бэйэтэ сүүспүттэн сыллаан ылбыта. Сарсыарда олох да5аны ыалдьыбыппын мэлдьэhэн кэбиспит курдук чөл уhуктубутум.
Ити быраас кыыс нап-нарын тарбахтарынан имэрийбит сылааhа абылаан кэбиспит курдук эппэр-хааммар иҥэн хаалбыт курдук буолбута.Мин диэки хайыhан мичээрдээн ылбыта харахпар бу баардыы көстөрө.Кинини куруук саныы сылдьарым,нарын бэйэлээх кэрэчээн кыыс өйбүттэн олох тахсыбат буолбута. Биирдэ күһүөрү сайын үгэспинэн өрүскэ балыктыы барбытым.Айыл5а5а со5ото5ун сылдьарбын то5о эрэ ордорор этим.О5о сылдьан таайбынаан куруук сылдьар сирбитигэр тиийэн илим түһэрбитим,хас да закидушка (закидушка диэн балыктыыр тэрил)быра5ан баран маныы сылдьыбытым.Балык сотору-сотору иҥнэрэ,ол аайы төптөрү-таары сүүрэммин киэhээ буолбутун билбэккэ да5аны хаалбытым.Күһүҥҥү халлаан түргэн бэйэлээхтик хараҥаран барбыта.Балык иҥиннэ5инэ иhилиннин диэн закидушкаларбар чуораанчык иилтэлээбитим уонна уот оттон киэhээҥҥибин аhыы-сии олорбутум,түүн хатыыс үчүгэйдик иҥнээччи.Ол олордохпуна уҥа диэки түгэх закидушкаларым чуораанчыктара харса суох лыҥкынаан киирэн барбаттар ээ.Мин ойон турбутум да ол диэки ыстаммытым.Тиийэн көрбүтүм туох да иҥнибэтэх.Онтон хаҥас диэки түгэх чуораанчыктарым оонньоон барбыттара,аны онно тэбиммитим.Эмиэ мэлигир,туох да иҥнибэтэх.Ол курдук хаста да тыаhаабыттара,ол аайы мин төптөрү-таары сүүр да сүүр.Кэлин кэлэйэн уҥа өттүбэр баар закидушкаларбын оргууй а5ай бэрийэ сырыттахпына,хаҥас диэки музыкалаан эрэр курдук чуораанчыктарым оонньоон барбыттара.Мин бу сырыыга ыксаабакка оргууй а5ай хааман ол диэки саллаҥнаабытым.Ол иhэн хара5ым кырыытынан көрбүтүм,уот оттон аhыы олорбут сирбэр муус маҥан таҥастаах киhи турар этэ.Бу сааспар диэри үрүҥ таҥастаах абааhылар,үөрдэр тустарынан араас кутталлаах кэпсээннэри иhиттим ини,истибэтим ини.Эргиллэ биэрбитим да,инним хоту үлүбээй,буут быстарынан түһүнэн кэбиспитим.Ма5ыйа-ма5ыйа куотан иhэн иhиттэхпинэ,билэр ба5айы,дьэрэкээн бэйэлээх кыыс куолаһа күлэрин кыатана сатыы-сатыы: -Айаал,тохтоо,төнүн,-диирэ. Мин онно тута билбитим,кини эбит,мин до5орум!Мин түөспүн тылынан сатаан кэпсэммэт үөрүү толорбута.Ол да буоллар тохтообото5ум,соруйан өссө эбэн биэрбитим.Күүспүн-кыахпын көрдөрөн киниэхэ киhиргээри эбитэ буолуо.Туруору биэрэги өрө сүүрэн дабайан тахсыбытым уонна утары сүүрэн кэлэн,үөһээттэн ыстанан кини иннигэр биирдэ баар буола түспүтүм. -О5о сылдьан бу курдук көтө оонньуур этибит дии. -Барытын өйдүүбүн,ол эрээри эн бытаарбыккын,олус бытаан буолбуккун,-диэн до5орум күлбүтэ. -Оннук,мин билигин ол сулустарга хайдах да биир түүнүнэн көтөн тиийбэппин. Урукку эбитэ буоллар биhиги күнү-түүнү билбэккэ оонньоон,мэниктээн аhарыа этибит.Билигин маҥнай утаа хайдах буолуохпутун билбэккэ саҥата суох кэккэлэhэн олорбуппут. -Балыыhа5а сыттахпына имэрийбит илиин сылааһа билигин да5аны эппэр-хааммар иҥэн хаалан хаалбыт курдук. -Мантан ыла мин куруук эн аттыгар баарбын билэр буолуон. -Эн ааккын да5аны билбэппин дии,аттыбар бааргын хайдах билиэхпиний? -Эн миигин ааттаа,ол мин аатым буолуо. -Оччо5уна мантан ыла эн... эн... Сулусчаана буола5ын. До5орум күлэ-күлэ ойон турбута: -Мин сулус кыыhа Сулусчаанабын,-диэн ыллыы-ыллыы нарын бэйэлээхтик эргийэн үҥкүүлээн барбыта.Мин илиититтэн сиэтэн,синньигэс биилиттэн өйөөн тэҥҥэ үҥкүүлэhэн барбытым. Ити курдук о5о эрдэ5инээбитинии мэниктээн,дьээбэлэhэн сарсыарда буолбутун билбэккэ хаалбыппыт.Ол эрээри туох эрэ саҥа өйдөммөт иэйии эдэркээн сүрэхтэрбитин толорбута. Халлаан сырдаан ырааппыта,уоппут умаллыбыта быдаҥнаабыт этэ.Мин Сулусчаананы санныттан кууhан,өрүhү көрөн олорбуппут. -Айаал,эн дьиэ5эр барарын уолдьаста. -Онтон эн? -Мин манна хаалабын буолла5а,кийиит гынан дьиэ5эр илдьэ барбат инигин? Диэн до5орум күлбүтэ. Балыктыыр тэриллэрбин хомунан,мин дьиэм диэки айаннаабытым.Саҥа сүрэхтэммит до5орум,Сулусчаана кытылга сайыспыттыы далбаатыы хаалбыта.Мин хаhааҥҥытаа5ар да5аны а5ыйах балыктаннарбын,онтон олох хомойбото5ум.Түөспүн өйдөммөт саҥа иэйии уонна үөрүү толороро.
Ити күһүн эбээм то5ус уон сааhын туолбута.Ийэлээх,а5ам аймахтарбытын,чугас дьону ыҥыртаан кыра малааhын тэрийбиттэрэ.Киэhээ бары тар5аспыттарын кэннэ эбээм миигин хоhугар ыҥыран киллэрбитэ. -Һыллыай,бу маны эйиэхээ бэлэхтиибин,билигин тугу да5аны эппэппин,кэмэ кэллэ5инэ бэйэҥ билиэҥ,-эрэ диэбитэ. То5о уол о5о5о кыптыый бэлэхтээтэ5эй,диэн дьиктиргии санаабытым.Ону сэрэйбиттии мичик гыммыта уонна сүүспүттэн сыллаан ылбыта.Эбээм барахсан күнү быhа иистэнэн тахсар идэлээ5э,ол быыhыгар быыстала суох кимниин эрэ ботугураан кэпсэтэр курдуга.Биhиги сиэннэрэ о5олор истэ сатаан баран тулуйбакка соро5ор ыйытар буоларбыт: -Эбээ ити кимниин кэпсэтэ5ин? Ким да суох буолбаат. -Эhиги орой мэник хараххытынан көрдөххүтүнэ ким да суох курдук.Дьиҥэр манна киhи үп-үллэҥнэс,-диэччи. Биhиги кырдьык хордьук иннибитин-кэннибитин көрүнэн баран: -Эбээбит түөһэйээри гыммыт,-диэн кистээн күлсэн эрэ кэбиhээччибит. Бу саха ууhа охсубут кыптыыйа ыйааhына ыарахана сүрүн.Эбээм хоhуттан тахсан баран кыптыыйбын ханна гыныахпын билбэккэ далбаатыы турбутум.Онтон аналлаах ыскааппар илдьэн,дьон хара5ар хатамматын диэн,түгэх со5ус кистээн кэбиспитим. Балыктыы сылдьан күһүҥҥү көрсүһүү кэнниттэн Сулусчаананы наhаа ахтар буолбутум.Бэйэм хайдах да5аны киниэхээ тиийэр кыа5ым суох буолан,күннэри-түүннэри кэлэрин кэтэhэр эрэ этим.Биирдэ дьиэбэр олордохпуна,түннүкпэр дьүкээбил уотун курдук тырымнаһан дьэрэкээн бэйэлээх уоттар кэлэн түспүттэрэ.Мин дьиктиргээн ону одуулаан турдум.Эбээм үгэhинэн тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу хоhугар иистэнэ олороохтообута.Онтон хантан да кэлбитэ биллибэккэ аттыбар Муус маҥан таҥастаах,кып-кыhыл уостаах,сиртэн-буортан тэйбит,нап-нарын Сулусчаана баар буолан хаалбыта. -Сулусчаана,мин эйигин күүппүтүм а5ай дии,то5о өр ба5айы буоллуҥ? -Айаал,мин эйигин эмиэ наhаа ахтабын,то5о буолуой? -Билбэппин. -Мин эмиэ билбэппин. Сулусчаана долбуурга сааhыланан турар пластинкалары ылан көрбүтэ,онтон биири ылан холбообута.Ити курдук биhиги ахтыл5аммытын таhааран музыка истэ-истэ ону-маны кэпсэппиппит,соро5ор бытаан ырыа5а үҥкүүлээн да ылбыппыт.Үҥкүүлүү сылдьан Сулусчаана төбөтүн санныбар уурбута уонна: -Сарсын ийэҥ ыаллыы олорор киhи массыынатынан куоракка барсыахтаах даа? Диэбитэ. -Ону эн хантан биллиҥ? -Ийэ5эр этээр,барсыбатын. -То5о? -Айаал,элбэ5и ыйытыма,эйигин истиэ5э,барсыа суо5а. Хоспут аана аhыллыбыта,эбээм киирэн кэлбитэ. -Һыллыай, иннэбин уган биэр эрэ,олох таба анньымаары гынным. Эбээм иннэтин уган биэрэн баран,хайыспытым Сулусчаанам баран хаалбыт этэ. Киэhээ ийэм үлэтиттэн кэлбитин кэннэ,мин хайдах баарынан,тугу көрбүппүн,истибиппин барытын кэпсээн биэрбитим.Ийэм соччо итэ5эйбэтэ5э да буоллар,сарсыарда аhыы олордохпутуна ыаллыы киhибит киирэн: -Хайа бэлэмҥин дуо,баран эрэбит,-диэбитигэр. -Чэ эhиги барын хойутуу автобуhунан барыам,-диэбитэ. Ити дьон айаннаан иhэн,халтарыйан массыыналара эргийэн хаалбытын киэhээ истибиппит.Хата дьолго ким да улаханнык эчэйбэтэх этэ.Ити түгэн кэнниттэн ийэлээх,а5ам миэхээ сыhыаннара уларыйбыта.Хайдах эрэ сэрэммиттии кэпсэтэр,он-маны ыйыталаhар буолбуттара.
Ити күнтэн ыла мин олох илэ кэриэтэ ону-маны көрүүлэнэр буолан барбытым.Туох түбэлтэ тахсаары гыммытын эрдэттэн билэр,сэрэйэр курдугум.Ону аналлаах дьоҥҥо кэпсээн сэрэттэхпинэ олох да5аны итэ5эйбэт этилэр.Сорох сорохтор өһүргэнэн,күргүйдээн ыыталлара.Арай ийэлээх,а5ам уонна кэккэ чугас аймахтарым итэ5эйиэхчэ итэ5эйимиэхчэ син сэҥээрэллэрэ.Соро5ор мин эппиппин истэн толорор да түгэннэрэ баара.Итини барытын истиҥ до5орум Сулусчаана кэлэн кэпсээн ааhара.Кини араас кэмнэргэ,хантан да5аны кэлбитэ биллибэккэ,нап-нарын бэйэтэ,эмискэ аттыбар баар буолан хаалара.Ол курдук эмиэ эмискэ сүтэн хаалара.Биhиги көрсүһүүбүт куруутун кэриэтэ кылгас буолааччы,наар ситэ кэпсэппэккэ арахсааччыбыт.Онтон мин кинилиин дьон-сэргэ ортотугар сиэттиhэн хаамсыахпын,киhилии киинэ5э сылдьыахпын,үҥкүүгэ ыҥыран,музыка абыгар уйдаран эргийэ дайыахпын,онтон дьиэтигэр атааран,олбуорун ааныгар кууhан туруохпун олус ба5арарым. Кыһыҥҥы каникулбут иннинэ биhиги оскуолабытыгар Саҥа дьыл киэhээтэ буолбута.Киэргэнэн-симэнэн таҥныбыт о5олор кылаас кылааһынан арахсан,төгүрүччү туран,үҥкүүлээн битийэ сылдьаллара.Бары үөрэ-көтө бэйэ-бэйэлэрин Саҥа дьылынан э5эрдэлэһэллэрэ.Мин биир кылааска үөрэнэр,до5ордоһор кыыспынаан,Валялыын ыскамыайка5а кэккэлэһэн олорбуппут.Валя куолутунан үгүс элбэ5и кэпсиирэ да, мин соччо-бачча сэҥээрэн истибэккэ олорбутум.Санаам олох ыраах,атын сиргэ этэ.Валялыын о5о саадыттан бииргэ сылдьыбыппыт.Кини миигиттэн алта ый а5а буолан олох эьиий курдук этэ.Үөрэтэрэ,чокуйара,соро5ор мөҕөн да ылара.Мин кини эппитин мас курдук толорорум,тылыттан олох тахсыбат этим.Ба5ар ол иhин буолуо хаhан да5аны кыыhырсыбат,этиспэт буоларбыт.Кылааһым о5олоро миигин "Валя саллаата" диэн ааттыыллара,мин онтон отой өһүргэммэт этим. -Айаал,маннык олоруохпут дуо,үҥкүүлүү киириэххэ эрэ. -Эн үҥкүүлээ,мин санаам кэлбэт. -Оо,дьэ кэлин хайдах эрэ наhаа тоска буолан хаалбыккын,-диэн баран үҥкүүлүү баран хаалбыта. О5олору кытта тэбис-тэҥҥэ үөрэ-көтө үҥкүүлэспитинэн барбыта.Кини о5о эрдэ5иттэн үҥкүүннэн дьарыктанар буолан олус тупса5айдык хамсанара,о5олортон эрэ быдан чорбойоро.Бытаан үҥкүүгэ биир уоллун куустуhан,мин иннибинэн эргийэн былаачыйата тэлээрэ көтөн ааспыта.Ол курдук Саҥа дьыл киэhээтигэр дуоhуйа үҥкүүлээн-көрүлээн санаата көтөҕүллүөн көтөҕүллүбүт этэ.Мин буолла5ына ыскамыайка манааччы буолан,киэhээни быhа олорон тахсыбытым. Биэчэр кэнниттэн Валяны дьиэтигэр атаардым.Баран иhэн: -Уон икки кэнниттэн тута кулуубка кэлээр.Мин подругаларбын кытта тиийиэ5им. -Сөп. -Эрдэ кэлэн хааллаххына аан иннигэр кэтэhээр. -Сөп,-мин сөп диэнтэн атыны билбэт киhи курдук,тугу эмэ эттэ5ин аайы "сөп" эрэ диэн иhэбин. -Айаа-ал,дьиэбэр кэллим,чэ пока. -Сөп.Ээ Валя тохтоо эрэ.Мин Валяны дьиэтигэр хаста сүүстэ атаардым ини,атаарбатым ини.Ол тухары биирдэ да кууспат бэйэм,олбуорун аанын иннигэр тохтотон кууһан ылбытым.Валя мичээрдээн уун-утары чо5улуччу көрөн,бэргэhэбин көннөрбүтэ буолан баран эмиэ санныбыттан кууhан ылбыта.Ол курдук саҥата суох утары көрсөн турбуппут.Санаабар барыта атын,маннык буолуо суохтаах,туох эрэ атын...Туох эрэ тиийбэт... Валя утары көрбүтүн кубулуппакка туран,тугу эрэ салгыы эрэйэрдии: -Тугуй? Диэбитэ. Оннук турдахпытына эмискэ халлаан сырдыы түспүтэ да,со5отохто дьиэлэрэ умайан тахсыбыта.Ынырык кутаа суоhа быhа салаабыта,мин Валяны кууспутунан кэнним диэки чугуруҥнаабытым.Олох көрөн турдахпына дьиэлэрэ күлүм гынан, күл эрэ буолан хаалбыта.Ханна эрэ ыраах да ыраах "Айаал,Айаа-ал"-диэн ким эрэ ыҥырара,онтон сахсыйан илгиэлээн ылбыта.Көрө түспүтүм Валяны кууhан турар эбиппин. -Ээ-эй,кавалер то5о чугуруҥнуугун,оннук страшнайбын дуо? -Сотору дьиэ5ит умайыа. Валя эмискэ миигин түөспүттэн тэйиччи анньыбыта да,ытыhынан иэдэспин хаста эмэ таhыйан сырбаппыта уонна эргиллэ биэрээт дьиэтигэр киирэн хаалбыта.
Мин тугу-тугу тылласпыппын оройдото сатаан өссө да өр со5ус оннубар туран хаалбытым.Валя миигин кытта олох кэпсэппэт буолбута.Эрийдэхпинэ дьиэтигэр суох аатырара,эбэтэр бэйэтэ ылла5ына,биир тылы ыhыктыбакка быра5ан кэбиhэрэ.Мин илэ кэриэтэ көрбүппүн эппиппиттэн кини то5о итиччэ айылаах өһүргэммитин сатаан өйдөөбөтө5үм. Тохсунньу ый бүтүүтүн са5ана,мин көрүүлэммитим курдук,Валялаах дьиэлэрэ эмискэ умайан хаалбыта.Туох да малларын быыhаабатахтара.Турар бэйэлэринэн аймахтарыгар кыбыллан кыстыырга күһэллибиттэрэ.Кылаас о5олоро таҥаhынан-сабынан,кыратык да буоллар харчыннан көмөлөһө сатаабыппыт.Мунньубут таҥаспытын суумка5а,харчыбыт сыыhын кэмбиэргэ уган,кылаас чааhын кэмигэр биэрбиппит.Онтон уолаттар,олорор ыалларыгар илдьэн биэрбиттэрэ.Сарсыныгар Валя миигин перемена кэмигэр ыҥыран ылбыта.Мин онно кэпсэтээри гынна диэн үөрбүтүм а5ай,онтукам баара: -Бу футболкаҥ,ырбаахын миэхэ улахан,уопсайынан эйигиттэн туох да көмө наадата суох,-диэн баран биэрбит таҥастарбын төптөрү туттаран кэбиспитэ.Мин онтон олус хомойбутум,ситэ үөрэммэккэ,хомунан дьиэбэр баран хаалбытым.Ороммор умса түһэн ытамньыйа сыттахпына ааны тоҥсуйбуттара.Сотору эбээм хоспор киирэн кэлбитэ: -Тукаам милииссийэ кэллэ,эйигин кытта кэпсэтиэн ба5арар. Милииссийэ диэни истэн соhуйан олоро биэрбитим,туох буруйу оҥорбут буоллахпыный,диэн толкуйга түспүтүм. -Дорообо,аатын суолун,а5аҥ аата...,-диэн милииссийэ доппуруостаан киирэн барбыта.-Биир кылааска үөрэнэр Захарова Валентина диэн кыыстыын туохтан сылтаан этиспиккитий?Хайдах быhыыга,майгыга,түгэҥҥэ "дьиэ5итин уоттуом" диэн куттаабыккыный?..Онтон да атын,араас ыйытыылары үрүт-үрдүгэр куппута.Мин соhуйан биир да ыйытыыга хоруйдаабакка олорон хаалбытым. Ити күнтэн ыла сотору-сотору милииссийэ дьиэтигэр ыҥыран ыйтан ордук доппуруостаабыттара.Мин сырыы аайы тугу көрбүппүн,туох буолбутун хайдах баарынан кэпсээн иhэрим.Ол аайы следователь соро5ор күлэрэ,соро5ор кыыhыран кабинетыттан үүрэн таhаарара. Ити курдук күн уhаан,саас чугаhаан кэлбитэ.Валя туохтан бачча үлүгэр хомойбутун сатаан өйдөөбөккө сылдьыбытым.Хаста да5аны "бырастыы гын" диэн көрдөһө сатаабыппын олох истибэт,кэпсэтэ да5аны сатаабат этэ.Мин көрүүлэрим дьоҥҥо туhата суохтарын билбитим,төптөрүтүн куhа5аны эрэ а5алалларын өйдөөбүтүм.Мантан ыла тугу көрүүлэммиппин дьоҥҥо хаhан да5аны кэпсиэм суо5а диэн кытаанахтык санаммытым.Ахтар,күүтэр до5орум Сулусчаанам тиийэн кэллэ5инэ,кэпсэтиэхпин олус да ба5ардарбын,төптөрү хайыhар буолбутум.Ол да буоллар кини нап-нарын тарбахтарын,кууhар кэриэтэ,санныбар ууран баран этиэхтээ5ин этэн сүтэн хаалара.Ол эрэ кэнниттэн эргиллэн,сайыспыттыы сүппүт сирин одуулаан олорорум. Биир өрөбүл сарсыарда эрдэ туран,чугас эргин туhахтарбын көрө барбытым.Хата биир куобахтанан,санаам көтөҕүллэн төннөн истэхпинэ,хаар өрө ыhыллан,күн уотугар кылабачыйа оонньоон тахсыбыта.Онтон иннибэр Сулусчаана баар буола түспүтэ: -Айаал,эн билэр буолан баран дьону сэрэппэтиҥ сыыhа... -Дьон син-биир истибэт,итэ5эйбэт.Аны мин хаhан да5аны, тугу да дьоҥҥо кэпсээбэппин.Дьон күлүү гынар,онтон мин кыбыстабын.Мин эйигин кытта көннөрү киhилии до5ордоhуохпун,бииргэ сылдьыахпын ба5арабын... Сулусчаана миигин кууhан ылбыта,кып-кыhыл уоhунан оргууй сэрэнэн нап-нарыннык уураабыта: -Мин эмиэ өрүү эйигин кытта буолуохпун ба5арабын,куруук ахтабын,саныыбын.Миигин хаhан да5аны маннык дьикти иэйии кууhа илигэ.Ол эрээри хайдах да бииргэ буоларбыт сатамматын билэбин,онтон олуhун хомойобун.Дьиҥэр мин эйиэхэ көстүө суохтаах этим.Ыраахтан сылдьан араҥаччылыахтаахпын,бэйэм да билбэппинэн чугаhаан хаалбыппын. -Оччо5уна кырдьык да5аны,көстүбэккэ ыраа5ынан сырыт,мин олохпун бука диэн бутуйума,-диэн баран,нап-нарын илиилэрин төлөрүтэн,оргууй хаама турбутум. -Айаал,армия5а сылдьар тастыҥ убайыҥ кэлэн иhэр,кини тоҥон өлөр кутталлаах,-диэт Сулусчаана сүтэн хаалбыта. Кырдьык,ол кэннэ нэдиэлэ эрэ буолан баран,тастыҥ убайым уоппускатыгар тиийэн кэлбитэ.Кэлиэ5иттэн биир да күн өрөөбөккө арыгылаан тахсыбыта.Мин маҥнай утаа сэрэтиэхпин ба5аран түгэн көрдүү сатаабытым да5аны,син-биир итэ5эйиэ суо5ун билбитим.Күн аайы итирик сылдьар киhи хайа өйүнэн итэ5эйиэй. Биирдэ киэhээ утуйан эрдэхпитинэ,хойут ба5айы,ол убайым дьиэбитигэр киирэн кэлбитэ уонна а5абар эриллэн барбыта: -Убаай биир водката а5ал эрэ,күнү быhа арыгылаатым да дууhам топпото,өссө көрдүүр. А5ам бастаан аккаастанар саҥата иhиллэр этэ,онтон убайбыт күргүйдээн барбытыгар хантан эрэ ороон таhааран биэрдэ быhыылаах.Дьэ онно киhибит өссө ордук оргуйан турбута: -Көр да маны,өссө арыгылаах сытан миигиттэн көҥөммүт буола-буола.Миигиттэн Советскай армия сержаныттан.Армия5а эбитэ буоллар эйигин...,диэн буолары буолбаты лахсыйан эрдэ5инэ уон иккилээх эрэ быраатым истэн тулуйа сатаан баран: -Айаал ити киhи наhаалаата,утутумаары гынна,туран түҥнэри саайан кэбис эрэ. Кырдьык да5аны,хаhааҥҥа диэри тулуйа сытыахпытый,дии санаан ойон турбутум.Арай көрбүтүм убайбыт буолуохсут,а5абын уолугуттан ылан,оhоххо ыксары анньан,бытыылканан охсуохча охсумуохча далбаатыы турар эбит. -Ыыт эрэ,уоскуй,-диэт уолугар түспүтүм. -Ээ,быраат,спортсмен да буол даа,наhаалаама эрэ,эйигиннээ5эр буолуох өрүөллэри тоhуталаабытым,-диэт уҥа-хаҥас дайбаан киирэн барбыта. -Уоскуй акаары,тоҥон өлөөрү сылдьа5ын,-диэн эмискэ тыбыыран кэбиспитим. -Өссө миигин,сержанта Советской Армии өлөрөөрү гына5ын,-диэн киhим эбии оргуйан турбута. Мин кэнним диэки тэйэн иhэн сыҥаахха охсон "лап" гыннаран кэбиспитим,киhим биир тыла суох турбут сиригэр дөйөн сууллан түспүтэ.Таhырдьа кэтэhэн турбут до5отторо тыас-уус буолбутун истэн киирэн кэлбиттэрэ.Мин бытыылканы кинилэргэ туттаран кэбиспитим уонна таhырдьа атаартаабытым.Убайбытын сыгынньахтаан дьыбааҥҥа сытыаран кэбиспиппит.Онтон дьэ уоскуйан утуйа тар5аспыппыт. Сарсыарда эрдэ уhуктан,таhырдьа тахсаары туран көрбүтүм,арай дьыбааммыт кураанах,убайым ханна да суох.Таҥаhа барыта сааhыланан олоппоско сытара.Мин ыксаан а5абын уhугуннарбытым уонна олбуор иhинэн,чугас эргин уулуссаннан көрдүү барбыппыт.Сотору со5ус нөҥүө уулусса5а тоҥон токуруйан сытарын булан ылбыппыт.Мин биир дьыалам сабыллан эрдэ5инэ,аны саҥа дьыала көбөн тахсыбыта.Эмиэ сотору-сотору милииссийэ5э соhуллар буолбутум.
Бүтэhик экзаменнарбытын туттаран,оскуоланы бүтэрэр кэммит тиийэн кэлбитэ.О5олор бары банкетка бэлэмнэнэн үөрэ-көтө сылдьыбыттара.Мин милииссийэ5э эриллибит дьыалам быhаарыллан бүппүтүн да үрдүнэн үөрэн-көтөн,банкетка барар санаам олох суо5а.Урут төрөөбүт күммүн кэтэhэр да эбит буоллахпына,билигин уон сэттэ сааспын туоларым а5ыйах хонук хаалбыта да санаабар биллибэт курдуга.Аттестаппын,үөрэххэ туттарсар направлениябын ылан баран дьиэбэр кэлэн хаалбытым.Балыктыы бараары матасыыкылбын көрүнэ сырыттахпына,мааны ба5айы былаачыйалаах Валя тиийэн кэлбитэ.Батта5ын араастаан эринэн оҥостубута,косметикаламмыта,хобулуктаах түүпүлэ кэппитэ олох сиртэн-буортан тэйбит курдук тупсан хаалбыт этэ. -Айаал привет. -Привет Валя. -Барыахха банкетка. Мин хайдах эрэ эмискэ наhаа үөрбүтүм.Туох баар баттыы сылдьыбыт ыарахан санааларым кыырай ыраах көтөн хаалбыттара. -Онтон мин...мин бу балыктыы бараары...барбатым дуу...барарым дуу... -Оччо5уна миигин илдьэ бар. -Онтон эн мааны ба5айыгын дии. -Футболка,ырбаахы,ыстаан биэрбитиҥ батта,онтука5ын төптөрү а5ал. Мин дьиэбэр киирэн таҥастары булан а5албытым.Валя гаражка киирэн уларыттан тахсыбыта,кырдьык да5аны улахан ба5айы футболка,ырбаахы,хаста эмэ өрө эриллибит спортивнай ыстаан кыратык да5аны кэрэ бэйэлээх дьүhүнүн буортулаабатахтара,хата эбии тупсарбыттара.Биhиги матасыыкылбытын мэҥиэстэн өрүс диэки куйаарда турбуппут.Дьэрэкээн бэйэлээх былаачыйа гаражка ыйанан хаалбыта. Закидушкаларбытын быра5аттаан баран кэпсэтэ олорбуппут. -Айаал,эн детсадка сылдьан наар сулустары көрөн тахсар этиҥ дии. Валя аттыбар кэлэн олорбута,мин санныттан кууспутум: -Билигин да5аны көрөбүн,үгүс элбэх сулустарга сылдьыбыт курдукпун. -Оччо5уна күһүн сулустары көрөн олорон миэхээ кэпсээр эрэ ханнык сулустарга сылдьыбыккын. -Хайаан да5аны кэпсиэм.Мин мас хомуйа бардым уот оттуохпут. Кураанах мастары хомуйан кэлэн истэхпинэ,эбээм иистэнэ олорон ыллыыр ырыатын матыыба иhиллибитэ.Сулусчаана кэлбитин мин тута сэрэйбитим.Тохтоон истэн турбутум.Кэннибин хайыhан көрүөхпүн олус ба5арбытым эрээри,ис испиттэн үөрэн мичээрдээн баран,сирдээ5и до5орум диэки хааман бара турбутум."Кэмэ кэллэ5инэ көрсүөхпү-үт"диэн дуораhыйан дьэрэкээн бэйэлээх куолас иhиллибитэ ону кытта тэҥинэн Сулусчаана туман буолан халлаан диэки субулла турбутун,кэтэхпинэн да буоллар сэрэйбитим. Тиийэн кэлбитим Валя үүт-үкчү ити матыыбы ыллыы олорор этэ. -Эн ити матыыбы хантан билэ5ин? -Айаал,мин бэ5эhээ дьикти ба5айы түүлү түүһээбитим.Кылбаа маҥан кубалар быыстарыгар куба буолан уста сылдьар эбиппин.Биир нарын бэйэлээх кыыс куба ити матыыбы ыллыы-ыллыы,миэхэ устан кэлэн,киhилии саҥарбыта: -Айаал буруйа суох,кини эн уураары гыммыккыттан куотан чугуйбата5а,кини атынтан соһуйан чугуйбута.Онтон Сулусчаана диэн мин,мин Сулус кыыhа кубабын.Эн кинини бырастыы гын,-диэбитэ. -Эн онно миигин уураары гыммытын дуо? -Уураары гыммыппар эн Сулусчаана,Сулусчаана дии-дии чугуйбутуҥ.Онтон кыыhыран иэдэскин таhыйбытым. Биhиги утары көрсөн олорон дэлби күлсүбүппүт. Оскуоланы бүтэрбит түүммүт ити курдук дьиктилээх буолбута.О5олорбутун кытта банкетка бииргэ сылдьыбатахпытыттан олох кэпсиммэтэхпит.
Валялыын эйэлэспит күммүтүттэн ыла Сулусчаана олох сүтэн хаалбыта,биирдэ да көстөн ааспата5а.Ол да буоллар мин көрүүлэнэрим өссө ордук күүһүрбүтэ.Туох түбэлтэ тахсаары гыммытын кэмигэр тиийэ билэр буолбутум.Онноо5ор дьон тугу саныы сылдьарын,тугу толкуйдуулларын сыыспакка курдаттыы көрөн таайарым.Чугас дьоммун араҥаччылыы сатыыр идэлэммитим.Ол эрээри то5о эрэ эбээм өлөрүн букатын билбэккэ хаалбытым.Дьокуускайга үөрэххэ киирэн үөрэнэ сырыттахпына,биир түүн эбээм барахсан эмискэ быстан хаалбыт этэ.Эбээбитин хайдах эрэ уратытык көмпүттэрэ.Биир уhун баттахтаах,олох билбэт киhим кэлэн,уҥуо5ар тобуктаан олорон өр да өр тугу эрэ ботугураабыта,ал5аабыта.Онтон бары дьиэ5э соhуллан кэлэн остуолга олорбуппут.Бары саҥата суох айах тута олорбуттара,сотору со5ус биир холуочуйан хаалбыт киhи: -Ээ,мин тыл этэбин.Бастатан туран чугас дьонугар кутур5аммын тиэрдэбин,-диэн тоҥхох гыммыта.Онтон салгыы,-Ити Балбаара эмээхсин мин эбээм чугас дьүөгэтэ этэ.Буот,эбээм кэпссир буолара,ити Балбаара эмээхсин Сулус кыыhа диэн ааттаах алдьархайдаах уда5ан эбитэ үһү.Биирдэ...-диэн эрдэ5инэ дьон саба саҥаран олордон кэбиспиттэрэ.Онтон олох да5аны дьиэттэн илдьэ тахсыбыттара. Дьиктиргээн кулгаахпын чөрөтөн олорбутум да5аны,ситэ истибэтэхпиттэн мин эрэ хомойбутум буолуо. Саастаах дьон тута атыны кэпсэтэн аралдьытан кэбиспиттэрэ. Валя түүлүн санаан кэлбитим,"...Онтон Сулусчаана диэн мин,мин Сулус кыыhа кубабын..."Бэйэ эрэ оччо5уна мин о5о эрдэхтэн ыралана саныыр санаам илэ дуу,диэн толкуйга түспүтүм.Ити киhини булан кэпсээнин ситэри истиэхпин ба5арбытым. Сарсыныгар ити киhи аатын-суолун,олорор сирин билэн,анаан-минээн тиийэ сылдьыбытым да5аны,киһим өйдөнөн хаалан олох атыны туойан турбута,итирик сылдьан тугу эппитин барытын кыккыраччы мэлдьэһэн кэбиспитэ.Онон тугу да5аны сиhилии билбэккэ куораппар төннүбүтүм.
Мин көрүүлэнэрим төһө да күүһүрдэр,тугу көрбүппүн тустаах дьоҥҥо кэпсээбэт,сэрэппэт этим.Кэпсээтэхпинэ да5аны син-биир итэ5эйбэттэрин билэрим,хата бэйэбин күлүү гыныахтарын сэрэйэрим.Ыалдьаары,оhолго түбэhээри гыммыт киhини билэ-билэбин сэрэппэтим санаабар олус ыарахан этэ.Бииргэ үөрэнэр о5олорум,саҥа билсибит табаарыстарым мин оннук көрүүлэнэрбин олох да5аны билбэттэр буолла5а. Валя культпросвет училищетыгар үөрэнэ киирбитэ.Күн аайы кэриэтэ көрсөрбүт,киинэ5э,дискотекаларга бииргэ сылдьарбыт.Биирдэ эмиэ дискотекаттан аргыстаһан кэлэн испиппит.Ып-ыраас халлааҥҥа тыhыынчаннан сулустар биhиги суолбутун сырдатар курдук сандааран тырымнаhа тураллара. -Айаал,халлаан ып-ыраас дии, наhаа элбэх сулус тырымнаhар.Чэ кэпсээн фантазиялаа эрэ ханнык сулустарга сылдьыбыккын. Мин сулустары биирдии-биирдии ыйан көрдөрө-көрдөрө кэпсээн барбытым: -Онтон оол-ол сулуска киhиэхээ марыынныыр иннинэн сирэйдээх,кэннинэн кэтэхтээх туох эрэ харамайдар олороллор.Кинилэр эмиэ да киhилии,эмиэ да ханнык эрэ биллибэт тылынан...,-диэн араас элбэ5и кэпсээбитим.-Онтон оол-ол сулустары көрөҕүн,ити сулустар кэннилэриттэн өссө үөһээ биир сулус баар.Онно... Мин эмискэ до5орбун Сулусчаананы санаан кэлэн саҥата суох барбытым.Кини то5о көстүбэт буолла?Кэлин кэмҥэ кини кэлэрин олус күүтэр буолбутум.То5о диэтэххэ ыйытарым олус элбэх этэ."Сулус кыыhа кубабын"-диэн Валя түүлүгэр киирбитэ дьикти.Онтон мин эбээм Сулус кыыhа-уда5ан.Итини барытын билиэхпин ба5арар этим. -Айаал,онно,ол сулуска туох баарый? Кэпсээн иhиий. -Онно...онно билигин туох баарын билбэппин.Ол эрээри ол сулуска тиийиэхпин олус ба5арабын. Валя уопсайыгар тиийэн кэлбиппит.Мин кинини кууhан,сыллаан ылбытым уонна дьиэбэр барбытым.Ону-маны саныы-саныы дьиэбэр баран истэхпинэ эмискэ ба5айы халлаан икки аҥыы хайдан аhыллан кэлбитэ.Сулусчаана кэллэ диэн үөрэ санаабытым,бииргэ үөрэнэр,куруутун кыhыл ыстааннаах сылдьар уол сирэйэ мэлбэс гына түспүтэ. -Быыhаа,-диэн хаhыытаат тимирэн хаалбыта. Сарсыарда үөрэнэр кабинеппытыгар киирэн,миэстэбитин булан олордубут.Кыhыл ыстааннаах уол батта5ын тараана-тараана киирэн кэллэ.Кини Мэҥэ-Хаҥаластан сылдьар этэ. -О5олор өрүс халыҥнык тоҥмут үһү,бэ5эhээ быраатым сатыы туораан кэлбитэ.Мэҥэлэр бу өрөбүлгэ мин дьиэлиибин,ким барсарый? -Тыый,куттала бэрт буолаарай,кэтэhэ түспүт ордук ини,-өрүс нөҥүөлэр кэпсэтиигэ кыттыhан барбыттара. -Ээ туох куттала кэлиэй,сэрэнэн барыллыа буолла5а.Өрөбүллэргэ куоракка тугу гына сытыахпыный.Дойдубун олус а5ынным. Мин бэ5эhээ тугу көрүүлэммиппин дьэ өйдөөбүтүм.Ол эрээри хайдах сэрэтиэхпин билбэккэ олорбутум.Кэпсэтэллэрин истэ сатаан баран тулуйбакка,быhа бааччы: -Барыма,тимирэн хаалыан,-эрэ диэбитим. Дьэ онно киhим кыыhыран турда: -То5о быhа этэ5ин,дьон туоруур буолла5ына мин да5аны туоруур инибин. Атын о5олор бука бары миигин утары турдулар: -Хайдах тыыннаах киhини утары көрөн туран итинник тыллаhа5ын. Кэннибэр биир кыыс олох кэлэйбит саҥата иhилиннэ: -Симпатиялыы сылдьыбытым,пахай акаары ба5айы уол эбиккии-ин. Кырдьык акаарыбын,саҥата суох олорбутум буоллар быдан судургу буолуо этэ. Ол уол субуота5а үөрэнэн бүтээт барбыта.Бараары туран миэхээ сутуругун көрдөрбүтэ уонна о5олор бары көрөн турдахтарына дьээбэ икки,кырдьык икки ардынан: -Дьэ быраат тимириэм да5аны олох сэрэн,оройгун хаhыам,-диэбитэ. Кини онтон эргиллибэтэ5э,сура5а суох сүппүтэ. Кини сүппүтүгэр о5олор миигин буруйдуур курдуктара,сыhыаннара уларыйбыта,сирэй-харах анньар буолбуттара.Буруйдууллара да5аны сөптөөҕө,мээнэ-мээнэ тылласпыт курдук көһүннэ5им.
Бииргэ үөрэнэр о5олорбун кытта саҥа билсэн бодоруhан иhэн,сыhыаным алдьаммыта.Кими да кытта кэпсэппэт,группаннан мунньустан бырааhынньыктыылларыгар игин кыттыспат буолбутум.Кэлэн үөрэнним да5аны дьиэбэр баран хааларым.Хата санаабар оннук ордук курдуга.Мин о5о эрдэхпиттэн со5отох чугас до5орум Валя эрэ хаалбыта.Кини да5аны,дьону кытта сайа5ас,кэпсэтинньэҥ буолан,элбэх саҥа дьүөгэлэнэн,көрсөрбүт лаппа а5ыйаабыта. Ол курдук сыл-хонук ааhан испитэ.Мин армия5а сылдьан,дойдум иннигэр иэспин төлөөн кэлэн,саҥа группа5а киирэн,үөрэхпин сал5аабытым.Эмиэ саҥа о5олор,саҥа билсиhии.Бу сыллар тухары көрүүлэнэрбин кимиэхээ да биллэрбэккэ,кэпсээбэккэ сылдьыбытым.Онноо5ор о5о эрдэхтэн чугас до5орум Валя тугу да билбэт этэ.Ийэлээх,а5ам да5аны умнан барбыттара быhыылаах,итэ5эйэр итэ5эйбэт икки ардынан сыhыаннаhаллара.Бу кэм устата Сулусчаана биирдэ да5аны көстөн ааспата5а,биирдэ да5аны аттыбар баарын биллэрбэтэ5э.Арай биир түгэнтэн ураты диэххэ дуу.Ити түгэн армияттан кэлбит сылбар сайын буолбута. Биир сарсыарда,түүнү быhа күүлэйдээн баран,утуйа сыттахпына,аттыбар турар ыскаап иhигэр "лыҥкыр-лыҥкыр" диэн туох эрэ тыаhаабыта.Мин уhуктан кэлбитим,ол эрээи уубар аҥаарыйа сылдьар буоламмын соччо кыhаммата5ым.Сотору со5ус эмиэ лыҥкынаан барбыта,сыыйа баайы тыаhа улааттар улаатан испитэ.Бу сырыыга уhуктубутум,олох илэ тыаhыыр эбит.Ойон туран ыскаап аллараа аанын арыйа баттаабытым,эбээм бэлэхтээбит кыптыыйа үҥкүүлүүр тэҥэ өрө хоройо сылдьара.Аан аhыллыбытыгар иннибэр охтон түһэн эрдэ5инэ,хабан ылбытым.Кырдьыгынан эттэххэ бу кыптыыйы мин олох да умнубутум быданнаабыт этэ.Ити кыптыый лыҥкынаан тыаhыы-тыаhыы үҥкүүлээн тугу билгэлээбитин билигин чуолкай этэр кыахтаахпын.Сотору кэминэн сыыйа-баайы үөрэнэн иистэнэр эрэ буолбакка,бэйэм айан таҥас арааhын тигэр буолан барбытым.Судургу таҥастан са5алаан,күндү түүлээх са5ынньахтары тигэр буолбутум.Ону таhынан бу сааспар диэри саhан сыппыт уруhуйдуур,уhанар дьо5урум аhыллыбыта.Күнү күннээн уруhуйдуурум,уhанарым.Ол эрээри,эр киhи иистэнэ олороро туораттан көрөргө дьикти ба5айы буолуо эрээри,иистэнэрбин быдан ордорор этим.Эбээм иистэнэ олорон ыллыыр ырыаларын ыллыы-ыллыы о5уруо анньан,иистэнэн бардахпына санаам чэпчиирэ,дууhам уоскуйара. Кэм-кэрдии ааhан испитэ.Мин сүүрбэ алта сааспын туолан,үөрэхпин бүтэрэн,үлэһит киhи буолбутум.Валя биhиги икки ардыбытыгар таптал иэйиитэ баара эбитэ дуу,суо5а эбитэ дуу.О5о эрдэхтэн до5ордуу буоламмыт бэйэ бэйэбитигэр үөрэнэн хаалбыппыт эбитэ дуу.Хайда5ын да иhин биhиги олохпутун холбоон ыал буолан бииргэ олорорго санаммыппыт.
Бала5ан ыйыгар сыбаайбалаары бэлэмнэнэ сылдьыбыппыт.Валя а5ыйах ыйдаах хат этэ,инньэ гынан Атырдьах ыйын бүтүүтэ "сохранения5а" диэн ааттаан балыыhа5а киллэрэн кэбиспиттэрэ.Сыбаайба түбүгэ-табыга,сүүрүүтэ-көтүүтэ барыта мин үрдүбүнэн буолан хаалбыта. Биир киэhээ Валям сыбаайбатын былаачыйатын тигэн иистэнэ олордохпуна,бииргэ үөрэммит уолаттарым киирэн кэлбиттэрэ.Кыра со5ус холуочук этилэр,арыгыларын сыта ыраахтан аҥылыйара. -Кыргыттары киинэ5э ыҥырбыппыт,кэлбэт буоллулар.Үс билиэт ордон хаалаары гынна,мээнэ олоруохтаа5ар барыс,-диэбиттэрэ. Мин үөрүүннэн сөбүлэспитим.Таҥна охсон таhырдьа тахсыбыппыт, "Центральнай" кинотеатыртан чугас олорорум.Эрдэ ба5айы кэлэн хаалан,кинотеатр иннигэр мээнэ туруохтаа5ар,уолаттарым ааhан иhэр кыргыттары кытта дьээбэлэhэ,эрийсэ сатаабыттара.Киинэ5э да5аны ыҥыран көрбүттэрэ.Кыргыттар холуочук уолаттарга аахайбакка ааhа бара тураллара.Ол турдахпытына арай,кылгас дьууппалаах,мааны бэйэлээхтик таҥныбыт үс кыыс бэйэлэринэн кэлэн сыбаммыттара,төһө да ыас ыстыы сырытталлар,арыгыларын сыта син-биир кэлэрэ.Уолаттар оччо тосхойбут түгэни мүлчү тутуохтара баара дуо,кэпсэтэн-ипсэтэн билсибитинэн барбыттара.Мин "сыа былчархайа" буолбуппун өйдөөн,кэпсэтиигэ кыттыспакка аттыларыгар туран хаалбытым. Ол турдахпына ким эрэ миигин ааппынан ыҥырбыта.Уҥа-хаҥас диэки эргичиҥнээн көрбүтүм ким да5аны ыҥырбыт сибикитэ суох курдуга.Онтон эмиэ: -Айаал,бу баарбын.Бу диэки көрүүй,-диэн кыыс саҥата иhиллибитэ. Мин ол-бу диэки көрө сатаабытым,чугаhынан ыҥырыах айылаах билэр киhим көстүбэтэ5э.Ол курдук чоройуохпунан чоройон уҥа-хаҥас хантаарыҥныы турдахпына биир уолум: -Хайа до5оор туох ааттаах чоройдун,дайан тахсаары гыннын дии,-диэн күлбүтэ. -Ким эрэ ыҥырда дии,эhиги истибэтигит дуо? -Уой,мин эйигин сааhым тухары күн аайы ыҥырартан хал буолуом суо5а этэ,-диэн биир кыыс кыттыспыта. -Ээ,бу уол ойохтоноору сылдьар,сотору сыбаайбалыыр,конкуруска хапсыбат,хараххытын хатааман,-диэн биир уол миигин көхсүнэн хаххалаабыта буолбута.Мин онно эрэ кыhаммакка ким ыҥырарын истэ сатыы турбутум. -Айаа-ал,хайдах истибэккин,кэл манна,-диэн хаhан эрэ истибит кэрэчээн бэйэлээх куолаhым ыллаан эрэрдии дуораhыйбыта. -Иhиттигит дуо уолаттаар? Кыыс ыҥырар куолаhа иhилиннэ дии. -Оо,бу киhи да5аны,биhиги арыгыбыт сытыттан итирэн хаалла буолбаат. -Оол,суол нөҥүө турар быhыылаах,онно сүүр,-диэн баран,горисполком (билигин мэрия дьиэтэ)диэки далбаатаабыта. Кырдьык да5аны далбаатаабыт сирин диэки хайыспытым,суол нөҥүө,бүтүннүү муус маҥан таҥастаах,ыраахтан кытаран көстөр,кып-кыhыл уостаах,ситэн-хотон өссө олус тупсубут,мин күндү до5орум,Сулусчаана илэ бэйэтинэн мичээрдээн,нап-нарын илиитинэн далбаатыы турара.Мин тугу барытын хаалларан,сирдээ5и олохпун умнаммын,кини диэки сүүрбүтүм.Проспегы туораан эрдэхпинэ,Сулусчаанам то5о эрэ төптөрү эргиллэн,кэннин хайыhан көрө-көрө,миигиттэн куотар курдук,Курашов аатынан уулусса устун оргууй а5ай бара турбута.Мин хаамыыбын түргэттэхпинэ,кини эмиэ түргээн биэрэрэ,бытаардахпына,кини эмиэ бытаарара.Ол курдук кэнниттэн батыhан,"Туйаара" ма5аhыыҥҥа тиийэн кэлбиппит.Кини кирилиэскэ тахсан тохтообута уонна мин диэки хайыспыта,урут туох да буоллун куруук үөрэ сылдьар бэйэтэ,бу сырыыга хара5а бүтүннүү уу баспыт,ытамньыйбыт көрүҥнээ5э.Ону көрөн мин соhуйбутум а5ай: -Сулусчаана туох буоллуҥ? Сулусчаана хоруйдаабата5а,эргиллэ биэрээт ма5аhыын иhигэр киирэн хаалбыта.Кэнниттэн эккирэтэн кэлэн ааны тардыалаан көрбүтүм,киэhээ то5ус чааска ханнык ма5аhыын аана аhа5ас буолуой?Ыбылы хатааhыннаах этэ.Син балай да өр та5ыс диэн көрдөһө-ааттаhа сатаабытым да5аны тахсыбата5а.Мин кини курдук ааны курдат сылдьар кыа5ым суох буолан,төһө да кыыhырдарбын, кыhыйдарбын төннөргө күһэллибитим.Бу сыллар тухары Сулусчаана тиийэн кэлэрин төһө өр күүппүтүм буолуой? Уон сыл устата санаабын үнтү бутуйбут өйдөммөт түгэннэри ыйытан билиэхпин олус ба5арар этим.Онтукам баара кэпсэтиэн да ба5арбакка куотан хаалбыта.Кирилиэстэн түһэн баран эрдэхпинэ,кэннибиттэн тахсан кэлбитэ: -Бу сыллар усталарын тухары мин эйигин олус ахтыбытым,көрсөр кэммитин өр да5аны күүппүтүм ону баара эн...-диэн баран эмиэ сүтэн хаалбыта.Мин туох куhа5аны оҥорбуппун толкуйдуу сатыы-сатыы дьиэбэр бара турбутум. Сулусчаана туохтан эрэ олус хоргуппут да буоллар бу сырыыга да5аны миигин алдьархайдаах түгэнтэн өрүһүйбүт этэ.Ол курдук,мин уолаттарбыттан арахсан барааппын кытта,ити үс кыыhы уолаттар көрдөөн эккирэтэн кэлбиттэр үһү.Кыргыттар уолаттары көрөөт суумкаларын быра5ан куота сатаабыттар.Ону тутан ылан кырбаары хаайан суумкаларын хаhан,чинчийэн барбыттар.Милииссийэ5э туттараары чиччигинээбиттэр.Мин уолаттарым холуочуктарыгар о5устаран,тугу да5аны өйдүү сатаабакка,кыргыттарын көмүскэhэн турбуттар.Саҥа билсибит кыргыттара уоруйах эбиттэрин,ити а5ай иннинэ уолаттары албыннаан хосторуттан харчыларын,көмүстэрин уоран тахсыбыттарын,хантан билиэхтэрэ баарай. -То5о уоруйах кыргыттары көмүскэhэ сатыыгыт? Ол аата эhиги кыттыгас буоллаххыт,-диэннэр, кинотеатр кэннигэр соhон илдьэн,улаханнык эчэйиэхтэригэр диэри үлтү кырбаан кэбиспиттэр этэ.Биир уол онно төбөтүн хайа о5устаран,киhи ха5а буолаахтаабыта.Бары да5аны өр кэм устата балыыhа5а сытан эмтэммиттэрэ.
Биhиги сыбаайбабыт чугаhаатар чугаhаан испитэ.Валяны балыыhаттан олох да5аны таhаарар санаалара суох этэ.Күн аайы кэриэтэ балыыhа5а таhылларым,ас-үөл,оннук-маннык таҥас-сап илдьэрим.Валя олох тэhийбэт этэ,ол иhин сылаас күннэргэ аралдьыта таарыйа,таhырдьа тахсан хаамсарбыт,олорон эрэ өр да өр ону-маны кэпсэтэрбит.Ол тухары таптал туhунан биир да тылы төлө тутан ыhыктыбат этибит.Хайдах эрэ эдьиийдии быраат курдук сыhыаннаhарбыт.Биирдэ куустуhан олорон уhуннук да уhуннук сылласпыппыт,ол кэнниттэн кини ыйыппыта: -Сыллаhа олорон тугу чувствуйдуугун? -Харахпар сулустар көстөллөр,ол быыhынан ханна эрэ ыраах көтөн иhэр курдукпун,-диэн хомотумаары эрийэ-буруйа хоруйдаабытым.Дьиҥэр харахпар нарын бэйэлээх Сулусчаана көстөн кэлэр этэ. -Эмиэ сулустар,-диэн Валя күлбүтэ. -Онтон эйиэхээ сыллаhа олорон хайдах иэйии киирэрий? -Хайдах эрэ кыра о5ону сыллыы олорор курдукпун,дьикти ба5айы дии,-диэн күллэрбитэ. Мин куорат оло5ор төһө да үөрэннэрбин,дойдубун олус ахтарым,балыктыырбын,бултуурбун суохтуурум.Биир өрөбүлгэ Валябын сэрэтэн баран,балыктыы диэн ааттаан дойдубар айаннаабытым.Дьиҥинэн урут таайбынаан куруук балыктыыр сирбитигэр тиийэн Сулусчаананы көрсөр ба5алаа5ым.Хайаан да онно кэлиэ5э диэн эрэнэ саныырым.Дойдубар тиийээт да тардыллыбакка,тэринэ охсон аналлаах сирбэр барбытым.Дойдум барахсан салгынныын үчүгэйиэн,оттуун-мастыын чыҥха атын.Ама атын дойдуга маннык кэрэ сир баара буолуо дуо? Илиммин түһэрэн,закидушкаларбын быра5ан,дойдум салгынын түөспэр толору эҕирийэн,дуоhуйан тиэрэ түһэн сыппытым.Илиммэр балык иҥнэн оонньуура,мин онно то5о эрэ олох да кыhаммакка сыппытым.Ол сыттахпына. -Балык иннибит дии,то5о сыта5ын,-диэн өр кэтэhиннэрбэккэ Сулусчаана тиийэн кэлэн аттыбар олорбута. Мин үөрүүбүттэн ойон турбутум,эмиэ сүтэн хаалыа диэбиттии,бу сырыыга барытын билэ иликпинэ ханна да ыыппат санаалаах ыга кууhан ылбытым.Ол эрээри кини харахтарын көрөөт хайдах эрэ эмискэ уостан хаалбытым.Чыпчылыйбакка да5аны утары көрбүт хап-хара харахтар чо5улуhан, ытыска уурбут курдук аhа5астык,биир да ордук тыла суох барытын кэпсээбиттэрэ.Онно уон сыллаа5ы ахтыл5ан,санаа мунчуйуута,ып-ыраас кыыс о5о тапталын кыыма умайара.Мин барытын өйдөөбүтүм,уон сыл анараа өттүгэр кини миигин таптаабытын,ону хайдах да5аны сөптөөх тыллары булан сатаан эппэтэ5ин.Билигин ойохтонон эрэрбиттэн,атын дьахтар анала буолбуппуттан хомойбута эмиэ көстөрө.Биhиги куустуhан диэххэ дуу,ыга туппутум оччото эбитэ дуу,ол курдук тугу да5аны саҥарбакка өр да өр турбуппут.Арай сүрэхтэр долгуйа тэбэн,биир тыла суох барытын өйдөһөллөрө.Уон сыл тута сылдьыбыт,хайаан да билэн тэйиэх буолбут ыйытыыбар толору хоруйдуо суо5ун билэ-билэ,син-биир ыйыппытым: -Мин эбээм Сулус кыыhа диэн ааттаа5ын,уда5ан эбитин эн билэр этиҥ дуо? -Билэбин. -Мин эйигин Сулусчаана диэн ааттаабытым түбэhиэхчэ буолбатах буолла5а? -Оннук. -Оччо5уна туох сибээс баарый? Диэн сүрүн ыйытыыбын биэрбитим. -Айаал,эн ону билэрин сатаммат,-диэн баран Сулусчаана нарын бэйэлээхтик уоспуттан уураан ылбыта.Мин эмиэ уураабытым.Ол түүн мин олохпор хаhан да буолбатах кэрэ түүн этэ.Миэхээ таптал сылаас иэйиитэ дьиҥ чахчы уhуктан,саас-үйэ тухары эппэр-хааммар иҥэн,илэ сүүрбүтэ.
Бала5ан ыйыгар Валя биhиги икки холбоспуппут.Олох чугас аймахтарбытын,чугас до5отторбутун эрэ ыҥыран кыракый сыбаайба тэрийбиппит.Валяны ол эрэ күн балыыhаттан көҥүллээн таhаарбыттара.Дьэрэкээн оhуордаан,быhыылаан тикпит былаачыйам Валя5а сөрү-сөп буолбута,олус барсара,тупсарара.Дьүөгэлэрэ бэркэ сөҕөн,эргитэ сылдьан имэрийэ көрбүттэрэ,мин тикпиппин олох итэ5эйбэтэхтэрэ.Малааhыммыт төһө да5аны үчүгэйдик аастар,ыалдьыттарбыт бары үөрэн-көтөн тар5асталлар,мин санаабар хайдах эрэ барыта ураты курдук этэ.Атын киhи сыбаайбатыгар кэлэн,бэйэбин туораттан көрө олорор курдугум. -Айаал,"горько" дииллэр,туруохха,-диэн Валя сотору-сотору ойо5оско анньара.Ол аайы мин соhуйан өрө ходьох гына түһэрим.Валябын хомотумаары үөрбүтэ буолан ымайарым. Дьон тар5аспытын кэннэ Валя дэлби сылайан,тута утуйа барбыта.Мин со5ото5ун хаалан,оргууй а5ай иhити-хомуоhу хомуйан,сууйа-сото,олоппостору,остуоллары сааhылыы сылдьыбытым.Ол сылдьан,болкуоҥҥа тахсыбытым уонна толору ыйдаах халлааны одуулаан туран хаалбытым.Сулустар,сулустар,ахсаана биллибэт сулустар халлааны биир гына бытарыhан,эмиэ да үөрбүт курдук,эмиэ да туохтан эрэ хомойбут курдук,чуумпуруохтарынан чуумпуран,тугу эрэ кэтэhэрдии ыйанан тураллара. Дьиэ иhигэр кыраан уута сүүрэр тыаhа иhиллибитэ,иhит-хомуос тыаhаабыта.Валя көмөлөһө турда5а дуу,дии санаан киирбитим,олох кэтэспэтэх өттүбүттэн буолан тахсыбыта.Сулусчаана барахсан сулустары кытта тэбис-тэҥҥэ сандааран,нап-нарын бэйэтэ иhит сууйа турара. -Сыбаайба5ар хойутаан хааллым,саатар иhит сууйсуум. -Тс-с,Валя уhуктуо,мин билигин ойохтоох киhибин.Атын кыргыттары көрөрүм көҥүллэммэт,-диэн кууhан ылбытым. -Мин атын кыыс буолбатахпын ини? -Атын кыыс буолбатаххын.Мин эйигин күүппүтүм. Биhиги кэлин олох да5аны Валя утуйа сытарын умнан,уоппутугар-хаарбытыгар киирэн,күлсэ-күлсэ кэпсэтэн барбыппыт.Ол олордохпутуна Валя тиийэн кэлбитэ: -Уой,барытын хомуйан,иhити сууйан кэбиспиккин дуу,то5о түргэнэй.Ити кимниин кэпсэтэ5иний,кыыс саҥата,күлэрэ иhиллэр этэ дии? Мин соhуйан хаалан,тугу да5аны хардарбакка Валяны,Сулусчаананы хардары-таары көрө олорбутум.Сулусчаана туох да буолбата5ын курдук мин диэки утары көрөн мичээрдии олороро,Валя киирэн кэлбитин олох билбэт курдуга.Валя эмиэ Сулусчаана баарын олох көрбөт курдук: -Чэ,утуйуохха Айаал бириэмэ ырааппыт дии,-диэн илиибиттэн сиэтэн хос диэки илдьэ бара турбута.Сулусчаана мичээрэ симэлийэн,оннугар олорон хаалбыта.
Миигин ити түүн дьикти санаа бутуйбута.Валя,кыыс саҥарарын,күлэрин истибит курдук эрээри,то5о Сулусчаананы көрбөтө5өй?Төһө да5аны түүҥҥү эрэ лаампа умайан турдар,бүтүн киhи көстүөхтээх этэ буолла5а.Сулусчаана эмиэ,киhи киирэн кэллэ диэн, кини диэки хайыhан да5аны көрбөтөҕө миигин мунчаардыбыта.Түүнү быhа утуйбакка итини толкуйдаан төбөбүн үлтү сынньыбытым.Онтон уруккуну-хойуккуну саныы сытан,хайдах эрэ эмискэ өйдүү түспүтүм.Сулусчаана бастаан алта сааспар,онтон уон алта,онтон билигин сүүрбэ алта сааспар кэллэ.Уоннуу сыл буола-буола...уонна хайаан да5аны биир сыл миигин кытта бииргэ сылдьан баран,аныгыскы төрөөбүт күнүм чугаhаата5ына көстүбэт буолан хаалар эбит.То5о? Төһө да5аны саарбахтаатарбын, ол аата Сулусчаана илэ буолбатах,бэйэм санаабар эрэ баар буолла5а диэн түмүккэ кэлбитим. Сарсыарда диэкинэн саҥардыы нухарыйан эрдэхпинэ,Валя кууhан ылан,уоспуттан сыллаан уhугуннаран кэбиспитэ. -Бэ5эhээ кыыс саҥарарын,күлэрин чуолкай истибитиҥ дуо? -Оннук курдук этэ,уубар аҥаарыйа сылдьан иhиттим ини.Хат дьахталлар эттэрэ аhылынна5ына онноо5ор буолуо5у көрөллөр-истэллэр үһү,-диэн Валя улахаҥҥа уурбата5а. -Онтон ити киирэн баран кими да5аны көрбөтөҕүҥ дуо? -Кими көрүөхтээх этибиний?.. Көрсүүгүн дуо? Саҥа сыбаайбалаат да көрсүүлэммэтиҥ ини,-диэн Валя күлбүтэ.Онтон эмискэ ба5айы: -Арай дьиэни түргэн ба5айытык хомуйан,иhити барытын сууйан кэбиспитиҥ наhаа дьикти,-диэбитэ. Кырдьык да5аны,чаастан эрэ ордук кэм иhигэр итиччэ элбэх үлэни хайдах барытын саба баттаабытым эбитэ буолла?Чахчы ким эрэ көмөлөспүтүн курдук. Валяны балыыhатыгар атааран баран,санааларбын сай5ыы таарыйа,парка устун со5ото5ун,ханна да ыксаабакка дьиэм диэки төннөн испитим.Өрөбүл күн буолан парка5а киhи толору этэ.Мин Сулусчаананы саныы иhэммин,биир сиргэ тохтоон,харахпын быhа симэн бараммын: -Сулусчаана,илэ баар эбит буоллаххына манна көстүөҥ,суох буоллаххына суох,-диэн баран харахпын арыйа биэрбитим.Бу ботугураабыппыттан бэйэм да кыбыстыбытым,күлэ санаабытым.Ол да буоллар ол-бу диэки көрөн ылбытым.Ити курдук хааман истэхпинэ,кэннибиттэн эккирэтэн кэлэн нап-нарын илиилэр дьээбэлээн харахпын саба баттаабыттара.Эргиллэ биэрэн кууhн ылбытым. -Мин илэ баарбын итэ5эйбэккин дуо? -Итэ5эйиэхпин олус ба5арабын. -Итэ5эй. Биhиги сиэттиhэн парка устун аа-дьуо хаамсыбыппыт,хачыалга олорон ону-маны кэпсэппиппит.Ол олорон өйдөөн көрбүтүм ааhан иhэр дьон то5о эрэ мин эрэ диэки харахтара хатанара,аттыбар муус маҥан таҥастаах,нарын бэйэлээх кыыс баарын ким да5аны өйдөөн көрбөт курдуга.Мин ону дьиктиргии санаабытым.Туораттан көрдөххө бэйэм бэйэбин кытта кэпсэтэ олорорум буолуо диэн сэрэйбитим.Уончатын эрэ ааспыт уол аттыбытынан ааhан эрдэ5инэ,Сулусчаана5а тугу да5аны эппэккэ,ол уолу кэнниттэн сырсан ситэн ылбытым: -Ити миигин кытта хачыалга олорор маҥан таҥастаах кыыhы көрөҕүн дуо? -Хачыалга ким да5аны суох,кини барбыт. Эргиллэ биэрбитим кырдьык ким да суо5а, мэлдьэспиттии кураанах хачыал биэтэҥнии турара.Мин итэ5эйбэккэ ыгар кэриэтэ уолтан иккистээн ыйыппытым: -Ааhан иhэн көрөргөр баар этэ дуо? -Өйдөөн көрбөтөҕүм,-диэт уол куота турбута.
Мин иистэнэрбин сыыйа-баайы дьон билэн барбыта.Бастаан Валя подругалара таҥас-сап,күндү түүлээхтэн са5ынньах сакаастаан тиктэрэллэрэ.Онтон атын да5аны дьон истиhэн сакааhым элбээбитэ.Саҥаны айан иистэнэрбин олус сөбүлүүр буолбутум.Иистэммэккэ мээнэ олордохпуна санаабар эбээм бэлэхтээбит кыптыыйа "лыҥкыр-лыҥкыр" ыллаан,үҥкүүлээн тэйиэкэлээн барара.Тигэн киирэн бардахпына хайдах эрэ дьикти турукка киирэн,эйгэм уларыйан хаалара.Биир бэйэм икки буолан хаалбыт курдук туттарым-хаптарым лаппа түргүүрэ.Кырдьык да оннук этэ,ити сыбаайбам түүнүн кэнниттэн Сулусчаана миэхээ куруук көмөлөһө тиийэн кэлэр буолбута.Эбээм иистэнэ олорон,кигинэйэн ыллыыр ырыаларын ыллыы-ыллыы иистэнэрбит.Тигэн бүтэрбит таҥаспытын дьоҥҥо биэриэхпит иннинэ иккиэн имэрийэн-томоруйан ал5ыырбыт. Ол курдук биирдэ мааны ба5айы дьахтар андаатыр са5ынньах тиктэрбитэ.Бу дьахтар эрийэ-буруйа барбакка,барытын баарынан быhа-бааччы саҥарар,дьикти тыллаах-өстөөх буолан биэрбитэ. -Икки күнүнэн примерка5а кэлээр,-диэбиппин,то5о түргэнэй диэн,соhуйа истибитэ. Икки күнүнэн кэлэн,са5ынньа5а бэлэм буолан эрэрин итэ5эйбэтэхтии эргитэ сылдьан сирийэн көрбүтэ уонна: -Бу олох дьахтар буочара,эр киhи хайдах маннык тигиэй,- диэн саарбахтыы-саарбахтыы чинчийбитэ. Онтон са5ынньа5а бэлэм буолбутугар,кэлэн ылан барбыта.Биhиги үгэспитинэн ал5аан-туомнаан биэрбиппит.Хас да хонон баран,бу дьахтар биир дьахтары батыhыннаран тиийэн кэлбитэ. -Бу мин дьүөгэм-Ылдьаана,дьону ал5аан эмтиир идэлээх.Эн тикпит са5ынньаххын тутан-хабан көрөн баран,дьикти күүстээх алгыс иҥпит диэн,эйигин кытта кэпсэтэ кэллэ,-диэбитэ. Ылдьаана икки илиитинэн ытыспын тутан олорон, ону-маны үгүһү ыйыталаспыта. -Туох эрэ дьиктилээх киhигин,искэр икки киhи олорорун курдук улахан энергиялааххын,аhыллан биэрбэккин,тугу эрэ кистиигин,-диэн түмүктээбитэ.Бу кэмҥэ Сулусчаана аттыбар турара.Ол эрээри кини аттыбар баарын бу дьахталларга олох эппэтэ5им,этэр санаам да5аны суо5а. -Миэхээ көмөлөһөөччү буолуон этэ дуо? Мин эйигин дьону эмтииргэ үөрэтиэм этэ,-диэн сүрүн санаатын эппитэ. Онтон биирдэстэрэ харчы туhунан тыллаhан барбыта: -Биhиги дьоҥҥо үтүөнү оҥоробут,онно дьон харчытын кэрэйбэккэ төлүүр,олох кэпсиниэн суо5а,сөбүлэс,-диэн тылласпыта. Бу 90-с сыллардаахха ойууннааhын,араас эмчиттэр,отоhуттар үксээбит кэмнэрэ этэ.Мин хомуньуустар о5олоро буоламмын ойууннааhыны игин соччо итэ5эйбэтэрбин да5аны то5о эрэ собүлэhэн кэбиспитим.Бу кэмнэргэ харчы олус кырыымчык этэ,ба5ар харчыга ымсыыран буолуо судургутук сөбүлэhэн кэбиспиппин бэйэм да5аны өйдөөбөккө хаалбытым.
Ылдьаана дьону эмтииргэ үөрэтэн барбыта. -Дьону эмтиэн иннинэ,бастаан бэйэҥ турукка киириэхтээххин.Эмтиир киhигин кытта биир ситим буолуохтааххын,-диэн мэлдьи хатылыыра.Бэйэтэ араас албастары туттара:хомус тардан ылара,уот оттон ал5ыыра,бэйэтэ бэйэтигэр ботугураан кимтэн эрэ,тугу эрэ көрдөһөрө.Онтон дьэ "турукка киирдим" диэн дьону эмтээн,имэрийэн-томоруйан барара.Үгүс киhини эмтиирин көрбүтүм да5аны,хайдах турукка,туох туругар киирэрин,биир түгэҥҥэ диэри, олох өйдөөбөт этим. Биирдэ сааhырбыт дьахтар киирэн кэлбитэ.Бу дьахтар сүһүөхтэрэ ситэ көммөт буобут токур сүһүөхтэрдээх этэ. -Аан дойду балыыhатын барытын бараатым,туох да эмп көмөлөспөтө,-диэн ытаан-соҥоон киирбитэ. Ылдьаана үгэһинэн турукка киирэн,имэрийэн-томоруйан эмтээбитинэн барбыта.Мин илии-атах буолан көмөлөһөн үөрэнэ сылдьыбытым.Ылдьаана5а хас да күн үөрэнэрим тухары,биирдэ да5аны көстүбэтэх бэйэтэ,Сулусчаанам эмискэ аттыбар баар буола түспүтэ.Мин сирэйдиин-харахтыын уларыйан хаалбыппын Ылдьаана бэлиэтии көрбүт этэ. -Айаал,бу дьахтары биhиги эмтиирбит ордук буолуо,хайаан да5аны кыайыахпыт,-диэбитэ уонна нап-нарын тарбахтарынан имэрийэн барбыта.Мин Сулусчаана кэлбититтэн үөрэн,мичээрдээбиппин кубулуппакка,тэбис-тэҥҥэ имэрийсибитим.Аттыбытыгар Ылдьаана соhуйбуттуу,биир тылы быктарбакка, көрөн олорбута.Дьахтарбыт манньыйан,олох нухарыйан хаалан эрдэ5инэ: -Чэ бүттүбүт.Аны биир нэдиэлэннэн кэлээр,-диэбитэ Сулусчаана.Ити эппитин то5о эрэ мин хатылаан эрэрим. Дьахтар тахсан барбытын кэннэ,барытын истэн олорбут Тамаара (Ылдьаана дьүөгэтэ)дьэ оргуйан турбута. -Биир нэдиэлэннэн буолан!Эн хаhааҥҥыттан билэн тойомсуйар буолбуккунуй? Ити дьахтары нэдиэлэни быhа соhуохтаах этибит.Дьэ акаары уолгун,элбэх харчыттан мэлиттиҥ! -Бэйэ тохтоо,Тамаара.Өссө тугу да5аны мэлитэ иликпит,барыта иннибитигэр быhыылаах...,-диэбитэ Ылдьаана миигин тобулу көрөн олорон уонна балай да элбэх харчыны,сейфатыттан таhааран,туттаран кэбиспитэ. Мин харчыланан,Валябар кэhии-бэлэх атыылаhан,дьиэбэр үөрэн-көтөн кэлбитим.Ас арааhын астанан,малааhын кэриэтэ,дэлэйдик аhаабыппыт. Нэдиэлэ буолан баран,эмтээбит дьахтарбыт хара5а сырдаан,лаппа тупсан киирэн кэлбитэ.Үөрүүтүн сатаан туттуммакка,көнөр буолбут тоҥолохторун көрдөрө-көрдөрө: -Чэ кытаат,сыллыый,эмтээн ис,харчыны кэлэйбэккэ төлүөм,-диэбитэ. Биhиги Сулусчааналыын эмиэ эмтээн,имэрийэн-томоруйан барбыппыт.Кырдьык да5аны,Ылдьаана этэрин курдук, бу дьахтары эмтиирбитигэр хайдах эрэ кинилиин биир ситим буолан хааларбыт.Биhигиттэн киниэхэ туох эрэ сылаас иэйии тиийэрин мин эппинэн-хааммынан билэ турар курдугум.Ыарыhахпыт сотору кэминэн үтүөрэн дьолломмута,онтон мин эмиэ олус диэн үөрбүтүм.Эппитин курдук харчыны кэлэйбэккэ төлөөбүтэ.Бу диэн эттэххэ,ыалдьыбыт киhини эмтииргэ,чөлүгэр түһэрэргэ,сатаан өйдөммөт,биллибэт туох эрэ дьикти баарын билбитим.Маны хайдах да5аны быhаарар кыа5ым суох. Ол эрээри сорох дьону эмтиирбэр Сулусчаанам то5о эрэ көмөлөһө кэлбэт этэ.Көмөлөһө диэн буолуо дуо,кини эмтиир этэ буолла5а,көмөлөһөөччүтэ мин буолла5ым.Харчы ымсыытыгар ону улахаҥҥа уурбат буолбутум.Олох кураанахха имэрийэн-томоруйан эмтээн туомнуу турарбын сэрэйдэрбин да5аны тохтоон хаалбат этим.Бу дьон быстах эрэ кэмҥэ үчүгэй буолаллара,онтон Сулусчааналыын эмтээбит дьоммут дьиҥ чахчы үтүөрэн үөрдэллэрэ. -Сорох дьону эмтиирбэр то5о эрэ иэйиим кинилэргэ тиийбэт,кураана5ы имэрийэ турар курдукпун,-диэн Ылдьаана5а этэн көрбүппүн: -Эн өссө эдэргин,ситэ аhылла иликкин.Үөрэнэн истэххинэ барытын сатыан.Биир үксүн ыарыhахтан бэйэтиттэн тутулуктаах,ис сүрэ5иттэн итэ5эйэн арыллан биэрдэ5инэ туhалыыр,суох буолла5ына суох.Ону хайдах да5аны гынар кыахпыт суох.-эрэ диэбитэ. Ол эрээри кини эмтээбит дьоно лаппа тупсан кэлбиттэрин олох өйдөөбөппүн.Ба5ар кылгас кэмҥэ арыый ама буолан ылаллара эбитэ дуу?Биир үксүн тылынан баайан,дьон өйүн бутуйар курдуга.Оччо5уна дьон кырдьык көмөлөстө дуу диэбиттии,харчы бөҕө кутан,дуоhуйан бараллара.
Сорох ардыгар Ылдьаана турукка киирэн,ыарыhа5ы имэрийэн-томоруйан эрдэ5инэ,мин аттыбар Сулусчаана баар буола түһэрэ.Оччо5уна,туох эмэ сылтах булан,ыарыhа5ы Ылдьаанаттан былдьаан ылан,сал5ыы эмтиир буолбутум.Сулусчаана кэллэ5инэ хайаан да5аны үтүөрдэрбин билбитим.Ылдьаана утарыласпат этэ.Миэххэ лаппа баhыйтарарын сэрэйэрэ.Тугу да5аны өйдөөбөтөр да,эмтиирбин үөрэтэ көрө сатыыра.Мин да5аны киниэхэ кэпсии сатаабат этим.Кэпсээн да диэн хайдах турукка киирэн хааламмын,эмтиирбин бэйэм да5аны билбэт буолла5ым. Ылдьаана дьиҥ чахчы дьоҥҥо көмөлөһүөн ба5арара өтө көстөрө.Ол эрээри хайдах гынан сөптөөхтүк эмтиэ5ин бэйэтэ билбэт курдуга.Кини араас албастары туттан турукка киирэригэр,олох дэҥ кэриэтэ,аттыгар биэстээх-алталаах эрэ о5о баар буола түһээччи.Арааhа көмөлөһөөччүтэ буолуо.Ону олох да көрбөт этэ,сорох ардыгар түҥнэри көтөн ааhааччы.О5о ытаан маккыраата5ына Сулусчаана көтөҕөн ылан уоскутара уонна: -Бу маннык,бу манан имэрий,-диэн ыарыhа5ы имэрийтэрэн көмөлөһүннэрбитэ буолааччы.Оннук түгэннэргэ Ылдьаана кырдьык турукка киирбит курдук буолара.Хара5а уоттанан кэлэрэ,туттара-хаптара тосту уларыйан,имэрийсэн көмөлөһөн барааччы.Ыарыhах тахсан барбытын кэннэ,туругуттан сатаан тахсыбакка,тугу да5аны өйдөөбөккө олорон хаалааччы. Биирдэ үлэлээн бүтэн,буоларын курдук сиэппэр толору харчылаах,Сулусчааналыын аргыстаhан дьиэбэр баран испитим.Төһө да5аны Ахсынньы тымныыта сабардаан турдар,биhиги олох тоҥмокко,дьаарбайа сылдьар кэриэтэ сиэттиhэн,оргууй а5ай сатыы хаамсыбыппыт. -Ити сорох дьону эмтиирбэр эн то5о кэлбэккин? Кэлэрин буоллар,биир эрэ сиэбим толору буолбакка,икки сиэбим толору харчылаах кэлэн иhэр буолуом этэ,-диэбитим. -Эн дьоҥҥо барыларыгар көмөлөһүөм дии санаама,оннук хайдах да5аны кыаллыбат.Кырыс эрэ талбыт киhигэр дөбөҥнүк тиийиэн сөп.Онтон дьоҥҥо үчүгэйи оҥорор судургу буолбатах.Эмчит бэйэтин сулуһугар,кутугар сөп түбэhэр эрэ киhитин эмтээн үтүөрдэр кыахтаах.Сөп түбэспэт буолла5ына,төһө да кыhаммытын иhин кыаллыбат.Билэ-билэ ыарыhа5ы албынныыр тэҥэ буолан тахсар.Онон эрдэтинэ аккаастаммыт быдан ордук.Ыарыhах ба5арда5ына бэйэтигэр аналлаах эмчитин булуо5а. Ол аата бэйэтэ кэлэр харчыттан аккаастанабын дуо? Бачча үчүгэйдик олохпун оҥостон,байар-тайар суолга саҥа үктэнэн иhэн... Валям,быычыкаайык күн сирин саҥа көрбүт уолчааным кыhал5ата суох баай-дуол олоххо олоруохтарын наhаа ба5арабын буолбаат.Сулусчаана этэрин истэ истэхпинэ,ити курдук оннук-маннык санаалар төбөбүн быhа сыспыттара.Ону сэрэйэн: -Айаал,харчы харчытынан эрээри,дьону албынныыр сыыhа.Барыта кэмигэр кэлэн иhиэ буолла5а-диэн баран,Сулусчаана холорук буолан,үөһээ диэки ытыллан сүтэн хаалбыта.Мин кэнниттэн: -Эhиэхэ,сулустарга харчы наадата суох.Орто дойдуга харчыта суох хайдах олоруохпутуй?..Диэн хаалбытым. Мин Сулусчаана этэрин истибэтэ5им.Сатаан көмөлөспөт да дьоммун эмтээбитэ буола сылдьыбытым,ол кэмҥэ үксээбит,үгүс эмчиттэр курдук,тылбынан сымнатан,албыммын мүөттээн биэрэ сылдьыбытым.Иистэнэрбэр да5аны куруук барыстаах өттүн толкуйдуур буолан хаалбытым.Быhатын эттэххэ харахпар харчы кыбыллыбыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Биирдэ саас,Сулусчаананы саныы-саныы,үлэбиттэн кэлэн испитим.Кини Саҥа дьыл кэнниттэн биирдэ да5аны көстө илигэ.Ол истэхпинэ,олох тыала суохха,кэннибэр хаар ытыллан,холорук буолан ситэн ылбыта.Мин Сулусчаана диэн үөрэн эргиллэ биэрбитим,онтон көрбүппүттэн соhуйан,сиргэ "лах" гына олоро түспүтүм.Бу сырыыга кини кубарыйыа5ынан кубарыйбыт таҥастаа5а,кып-кыһыл бэйэлээх уостара көҕөрөн хаалбыт курдуктара.Тугу эрэ этэ сатыыра да5аны,айа5а эрэ хамсыыра,саҥатын истибэтэ5им.Ол курдук ааhа көтөн сүтэн хаалбыта.
Ол күнтэн ыла хайыы-сах сүүрбэттэн тахса сыл ааста.Мин дьон тэҥинэн олохпун оҥостон олоробун.Талбытым барыта анныбар баар курдук.Ол эрээри дууhам кубус-кураанах.Орто дойдуга төрөөн,айыл5аттан бэриллибит айдарыыбын,харчыга-үпкэ охтон хааламмын,сатаан таба туhамматахпын толору өйдүүбүн.Уhун сыллар усталара төһө да кэтэстэрбин Сулусчаанам барахсан отут алта да5аны,түөрт уон алта да5аны сааспар кэлбэтэ5э.Тааhы ууга бырахпыттыы,мин айыл5аттан айдарыыбын илдьэ,симэлийэ сүтэн хаалбыта.О5о сылдьан,кырдьа5астар этэллэрин истэр буоларым,Иэйэхсит сүрдээх өһүргэс,дииллэрэ.Биирдэ өһүргэттин,тылын истибэтиҥ да5аны,бырастыы гыммакка, саас-үйэ тухары төннүбэттии тэскилиир буолла5а. Мин билэрбинэн айыыны-хараны оҥорботох дьон бука бары Иэйэхситтээхтэр.Ол эрээри Иэйэхситтэрин сатаан истибэттэр.Санаа күүһүнэн Иэйэхсити истэр,онноо5ор көрөр,до5ордоһор,ону ааhан таптыыр буолуохха сөбүн мин билигин чопчу билэбин.Мин туох эрэ улахан күүстээх экстрасенс буола сылдьыбытым диэн этэр кыа5ым суох,оннугу соччо итэ5эйбэппин да5аны. О5о эрдэхтэн ыраас саныыр санааларым түмүллэн,улаатта5ым аайы күүһүрэн итинник турукка тиийбитим буолуо дии саныыбын.Ба5ар Сулусчаана тылыттан тахсыбата5ым эбитэ буоллар,өссө сайдан күүһүрэн иhиэм эбитэ буолуо. Эбээм кырдьык Сулус кыыhа диэн ааттаах уда5ан эбитин,Сэбиэскэй былаас са5ана ийэлээх,а5ам хомуньуус буоланнар уда5анныырын,дьону эмтиирин тосту буойбуттарын кырдьа5астартан истэн билбитим. Онтон Сулусчаана,эбээм Иэйэхситэ миэхэ бэриллибитэ эбитэ дуу? Эбэтэр эбээм бэйэтэ эдэр сылдьан эбитэ дуу? То5о диэтэргит Сулусчаана иэйиилээх түгэннэргэ миигин хаста да5аны ал5ас Миисэ,эбэтэр Мэхээлэ диэн ааттаан турардаах.Онтон Мэхээлэ диэн мин эhээм.Хайда5ын да иhин маннык дьикти кэрчик мин олохпор буолан ааспыта.