Главная / Кэпсээннэр / Дойдум дьоно
Добавить комментарий
Сулус уола - 31 мая 17:43
Ленин аатынан проспект устун үгэспинэн сатыы баран иһэбин. Өссө да олус эрдэ,онон тиэтэйбэккэ,үлэлиир тэрилтэм диэки аа-дьуо хаамабын. Ол иһэн, бу хара сордоох үөрэнэн хаалбычча,дьон тугу саныы иһэрин, харахтарынан киирэн,мэйиилэрин үлтү ытыйан,ытыска уурбут курдук ааҕан ыларбын отой кубулуппаппын. Ону биир да киһи сэрэйбэт, көннөрү дьон барахсан сэрэйэр кыаҕа да суох буоллаҕа. Арай, урут отуччалаах сылдьан бу проспекка Күннэй диэн ааттаах дьикти кыыһы көрсүбүттээхпин. Ол кыыс ааһан иһэр дьон тугу саныы иһэрин чопчу ааҕан ыларын таһынан өссө саҥа таһаарбакка эрэ ыраахтан кэпсэтэр дьоҕурдаах этэ.Кини ыарахан ыарыыга ылларан,тыына быстыар диэри,биирдэ даҕаны утары көрсөн олорон,айах атан кэпсэппэтэхпит. Ол эрээри санаабыт күүһүнэн ыраахтан сэһэргэһэн, кылгас кэм иһигэр ыкса доҕордоспуппут диэххэ сөп. Билигин кини курдук дьоҕурдаах киһи бу проспект устун сатыы хаамара буолуо дуо,эбэтэр мин собус-соҕотох хаалбыппын дуу? Дьон мэйиитин хасыһан ааҕар мин эдэр эрдэхпиттэн кытта кырдьыспыт куһаҕан эбитэ дуу,үчүгэй эбитэ дуу дьаллыгым буолар. Айылҕа миигин оннук айбыт, ону хайдах да гынар кыаҕым суох. Утары, кыра уҥуохтаах,тос курдук истэммит, туртайан эрэр чанчыктаах,эмиэ даҕаны мааны көстүүмнээх,маҥан ырбаахылаах,эбиитин хаалтыстаах киһи хааман-сиимэн,бөкүнүйэн аҕай иһэр. Кинини көрөн күлүөх санаам кэллэ, чугаһаан кэлэн, утары көрөөтүн кытары, хараҕынан киирэ охсон, тугу саныырын ааҕан ыллым. Оо,бу сордоох төбөтүн иһэ бүтүннүү булт айдаана, бүгүн дьыалатын ситиһэ охсон,дойдулаары тиэтэйээхтиир, бэркэ диэн кичэйэн оҥостубут дурдатын санаан ылаахтыыр. Ол быыһыгар балыыһаҕа сытар ийэтин көрсүөхтээх,туох ас атыылаһан илдьиэрин толкуйдуу сатыыр. Бэйэ эрэ, ийэтин аатын Егорова Светлана Николаевна диэн толкуйдаата дии,бэркэ билэр аатым ээ..,онтон бу киһини эмиэ билиэхчэ билбэтим дии. Аттыбынан ааһа баран эрэр киһини харытыттан харбаан ыллым: -Андрей,-диэн үөһээттэн таҥнары утары көрдүм. Киһим хараҕа быччайыаҕынан быччайда,соһуйбуттуу утары көрөр. Онтон дьикти бэйэлээхтик ырбас гынна уонна ыйар тарбаҕын чоротон,чуо муннубар аҕалан кэтилиннэрдэ: -Айаал.., Айаал Потапов илэ бэйэтинэн буолбат дуо? Андрей туох эрэ күндү сүтүгүн булбут киһи тэҥинэн икки илиитинэн ытыспын харбаан ылла,онтон санныбын таптайбахтаата. -Оннук,Айаалбын. -Оскуоланы бүтэриэхпититтэн ыла биирдэ даҕаны эйигин көрө иликпин. Олох уларыйбатаххын,саатар эр киһилии уойбатаххын,истэммэтэххин,маҥан баттах да сыстыбатах.Көр бу миигин,-киһим бөкүнүйэн хаалбыт иһин сэрэнэн имэринэ-имэринэ,тэҥнээн көрөн мин испин тэһитэ кэйиэлээтэ. -Оскуоланы бүтэрээт, тута куоракка көһөн киирбитим дии. Онтон ыла соҕуруунан-хотунан үөрэнэн хайаан.., сотору-сотору күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ сылдьан, дойдубар тиийэр соло суоҕа. -Ээ, арба спортсмен этиҥ дии. Оскуолаҕа үөрэнэ да сылдьан куруук күрэхтэһэ баран хаалар этиҥ, ый атаҕар-баһыгар эрэ кэлэн үөрэммитэ буолааччыгын, ону чуо өйдүүбүн ээ. -Оннук. -Саатар кэлиҥ кылааһынан көрсүһүүлэргэ да кэлэ сылдьыбаккын, биһиги биэс сыл буола-буола дойдубутугар тиийэн, хайаан даҕаны көрсөбүт ээ. -Бэрт эбит дии. -Эйигин уонна Валяҕын урут маҥнай ахтан ааһар этибит. Онтон кэлин, ытаабат оҕону эмсэҕэлээбэттэр дииллэригэр дылы, олох да умнан кэбиспиппит. Күлүк курдук сылдьар киһи түргэнник умнуллар эбит, ким даҕаны эйигин ахтыбат-санаабат, баарын-суоҕун биллибэт. Хата бойобуой кыыс-Валя дьиктитик сүттэ,ханна баарый,тугу гынар билигин? -Өлбүтэ ыраатта. -Оо, бырастыы гын. -Ол ырааттаҕа дии. -Мин эйигиттэн саҥа иһиттим. Хаһан эрэ былыр ыал буолан эрэр сураххытын сыыһа-халты истэн ааспыттааҕым. -Онтон эн хайдах олороҕуҥ,ханна бааргыный? Кэпсии түс эрэ. -Кырдьык даҕаны, мин манна Намҥа олохсуйбутум ыраатта... Бэйэ эрэ, хата эн миигин кытта Намҥа ыалдьыттыы таҕыс,тото-хана кэпсэтиэхпит,онтон уонна бачча кус үгэнигэр доҕоо-ор, дурдаҕа сытыахпыт этэ буоллаҕа. Саалаах инигин? -Саа баарынан баар даҕаны... -Ол-бу буолума, саа баар буолла да бүтэр, Намыҥ бу турар, ииктээтэххинэ иигин халыйан тиийэр сирэ. Хайаан даҕаны барсаҕыҥ? Бу Андрей оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар кэммитигэр олох саҥата суох уол этэ,күҥҥэ биир эмэ тылы ыган таһаардаҕына улахан кыайыы диэххэ сөп. Ол бэйэтэ билигин айаҕа хам буолбакка биир кэм лэбийэр, миигин көрсөн үөрбүтэ оччо дуу,диэххэ эмиэ сатаммакка дылы. Бу ыган-хаайан эрдэҕин. Дьэ киһи уларыйар да буолар эбит. -Үлэбэр баран иһэбин... -Куотунума хайаама. -Саатар үлэбэр тиийэн тойоммуттан көҥүллэтиим. -Дьэ, ити киһи тыла. Түлүпүөнүн нүөмэрин биэр, дьыалабын ситиһэн баран,эбиэттэн киэһэ дьиэҕиттэн ылан ааһыам. Бүгүн киэһэ тута кустуу барардыы оҥоһун. Ити курдук эмискэ баҕайы, Нам диэн аатырар,хаһан даҕаны сылдьыбатах дойдубар кустуу барар буолан хааллым.
Болдьохтоох кэм туолуута, эбиэттэн киэһэ, бултуу-алтыы диэн ааттаан, ох курдук оҥостон олордохпуна түлүпүөнүм тир*****э. -Айаал,чэ тахса оҕус,дьиэҥ айаҕар кэлэн турабын,-Андрей ыксатта. Малбын-салбын сүгэн, аҥар илиибэр чехоллаах саабын кыбынан, дьиэбиттэн тахсан кэлбиппэр, Андрей күлэ тоһуйда: -Туох ааттаах элбэх малын хааланныҥ? Аан дойду куһун бүтүннүү кыргаары толору ботуруон симинниҥ дуу, эбэтэр хас түспүт куһу арыгыннан күндүлээри толору бытыылка хааланныҥ дуу? -Барыта бултуур тэрилим. -Аҕал эрэ, көрүөххэ. Андрей рюкзакпын,суумкабын хаһыспытынан барда: -Пахай, спальнай мешоккун, уу саппыкыгын,бу иһити-хомуоһу барытын хааллар. Онтон бу,-хап-хара бытыылканы суумкабыттан ойутан таһааран,эргим-ургум тутан көрдө,- дьэ бу бэртээхэй коньяк, бу көҥүллэнэр. Таһаҕаһым аҥара сүөкэнэн хаалла, ити курдук айанныы турдубут. Сири өтүө суох курдук быыкаайык "toyota platz" массыына да буоллар, биирдэ Мырааны өрө дабайан эрэр этибит,онтон соҕотохто таҥнары сырылаан эрэргэ дылы этибит да, Эҥсиэли хочотугар тэлгэммит Нам диэн аатырар дойдуларыгар биирдэ баар буола түстүбүт. Кырдьык да,ииктээтэххэ иик халыйан тиийэр чугас дойдута эбит. Хайдах баччааҥҥа диэри бу дойдуга биирдэ даҕаны сылдьыбатахпыный, бу сааспар диэри Саха сирин балай эмэ кэрийдим ини,кэрийбэтим ини. Айанныырбыт былаһын тухары Андрей айаҕа саараама хам буолбакка хата дэлби сылатта. Туох үөдэнэ тэһэ баран саҥата элбээн хаалбыта эбитэ буолла. -Дьэ бу мин дьиэбэр тиийэн кэллибит, күндү ыалдьыт буол, сураҕа суох сүппүт Айаал Потапов. Эмиэ Андрей курдук кыра уҥуохтаах хатыҥыр дьахтар дьиэтиттэн тахсан, боруота аанын аста. -Эмээхсин, чэйгин өрө тарт, ыалдьыттаах кэллим уонна бултуу барар малбын-салбын бэлэмнии оҕус. Чэйдээтибит да, дурдабытыгар бара охсуохпут. -Барыта бэлэм-бэлэм,-дьахтар ааны саба туран, хардарда. -Дьэ бу эмээхсин,дьэ бу ойох,- Андрей ойоҕун хайҕаамахтаата. Остуолга тардыллыбыт бэлэм аһы аһыы олорон, Андрей үгүһү кэпсээтэ,сорох ардыгар үрүт-үрдүгэр лэбэйдээтэ. Элбэх саҥалаах киһини соччо тулуйбат буоламмын,кэпсээнин үксүн кулгааҕым таһынан ыыта олордум,сүрүнүн эрэ өйдөөн хаалабын. Киһим олох даҕаны улуус биир тутаах киһитэ буола үүммүт, быһатын эттэххэ улахан үлэһит, тойон эбит. Оҕолоро улаатан, ыал буолан тарҕаспыттар,ойоҕунаан иккиэйэҕин олорбуттара быдаҥнаабыт. Хата ойоҕо кэмчи саҥалаах дьахтар буолан биэрдэ,чэйдиирбит тухары биир тылы ыһыктыбата, саатар ыалдьытын аатын ыйыппата. Биһиги куораттан айаннаан кэлбит массыынабытын хаалларан, таһаҕаспытын кэлээскэлээх матасыыкылга тиэйэн, саабытын туора сүгэн, тыа диэки айанныы турдубут. Бу дойду дьоно кустуу баралларыгар үгүс элбэх таһаҕастамматтар эбит, кыра өйүө уонна сааларын кыбыннылар да бүтэр. Көбүс-көнө суол устун айаннаан тирилэтэн тиийэн, эмиэ Мырааны өрө дабайан таҕыстыбыт,онтон бэрт кыратык айанныы түһээт, хаҥас диэки салайдыбыт. Сотору киһим үрдүк сыыртан таҥнары түспэккэ эрэ матасыыкылын тохтотто уонна киэҥ туттан олорон: -Дьэ, Айаал көрөн кэбис, мин кустуур алааспын. -Иннибитигэр түгэҕэ көстүбэт киэҥ нэлэмэн алаас тэлгэнэн сытар. Бэтэрээ өттүгэр төп-төгүрүк күөллээх, анараа диэки уһун күөл субуруйбут. Төгүрүк күөлгэ бэркэ кичэйэн оҥоһуллубут дурда көстөр. -Тоҕо баҕас кэрэтэй. -Олус кэрэ. Биһиги ити Төгүрүк күөлгэ сытыахпыт. Дьиктитэ диэн баар кус тоҕо эрэ ити уһун күөлгэ түспэккэ, эргийэн кэлэн, хайаан даҕаны Төгүрүк күөлгэ түһэр. Дьэ сирбитин-уоппутун аһатан, Байанайбытын күндүлээн баран, дурдабытыгар киирэн сыттахпыт буоллун. -Оннук. Этиллибитин курдук, уот оттон күндүлээтибит, бултуйар туһугар Байанайтан көрдөһөн, алҕаатыбыт уонна кыратык хабыалатан баран, булчуттар быһыытынан дурдабытыгар киирэн, саабытын ииттэн, сыттыбыт. Ол тухары Андрей түлүпүөнэ сотору-сотору чыыбырҕыыр, арааһа ватсап кэлэр быһыылаах, ону булт абыгар ылларбыт киһи биирдэ даҕаны өҥөйөн көрбөтө. -Айаал инньэ гынан оскуоланы бүтэриэххиттэн биирдэ даҕаны дойдугар бара сылдьыбатыҥ дуу? Мээнэ сытыахтааҕар Андрей ыйытта. -Оннук буолан тахсар. -Оччоҕуна бултаабатаҕыҥ-алтаабатаҕыҥ ырааттаҕа дии. -Оннук. Биирдэ эмэ чугас эркин,куорат таһынан сылдьааччыбын. -Көр эрэ, кылааһынан көрүстэхпит аайытын Мария Ивановна биһигини булан кэлэн, эйигин сураһааччы ээ. Тоҕо эбитэ буолла? -Быйыл кыһын дойдубар ый курдук командировкаҕа сылдьан кэлбитим, Мария Ивановнаны көрсүбүтүм. -Ээ, диэ. -Оннук. Андрей түлүпүөнэ быыстала суох чыыбырҕаан баран,сүгүн буолбакка аны эрийдилэр быһыылаах, ону тулуйбакка сиэбиттэн хостоон таһааран: -Истэбин,-диэн куолаһын соҥотто. -Андрей Николаевич, ханна сылдьаҕыҥ? Дьахтар саҥата чуо иһиллэр. -Алааспар баарбын,кустуу сылдьабын. -Срочно кэлэ оҕустаххына табыллар, эйигинэ суох кыаллыбат дьыала буолла. -Ол туох үлүгэрэй? Андрей түлүпүөнүн туппутунан, дурдаттан оронон таҕыста уонна улахан тойон киэбин киллэрэн төптөрү-таары хаамыталыы сылдьан тугу эрэ быһаарса сатаата. Тиһэҕэр тиийэн: -Сөп-сөп, сотору кэлиэм,-диэтэ. -Туох буолла? -Дьэ Айаал, хайдах гынабыт? Миигин үлэбэр ыҥырдылар, хайаан даҕаны бардахпына эрэ сатанар буолла. -Онтон бачча кэлэн баран, мин хаалар инибин. Эн бара охсон кэл ээ. -Түүннэри сылдьарым буолуо ээ. -Оччоҕуна сарсыарда кэлэн ылар инигин? -Оннук гыныахха. Туох эмэ буоллаҕына миэхэ эрийээр,кими эмэ ыытан ылларыам. -Сөп. Үлэ аата үлэ, бардаҕына эрэ сатанар. Андрей бултан матан, бэркэ кыыһырбыт көрүҥнээх, матасыыкылын эһэн айанныы турда. Хата элбэх лэбэйи тулуйбат киһиэхэ, миэхэ ордук курдук, соҕотоҕун сылдьарга үөрүйэхпин. Халлаан хараҥаран барда, биир да кус кэлэн күөлбэр түспэтэ. Мээнэ олоруохтааҕар мончууктарбын кыҥаан,ытыалаабыта буолан саарыыбын, саабын имэрийбэхтиибин. Бу сааны хаһан эрэ өрдөөҕүтэ үлэбэр бэлэхтээбиттэрэ.Бастыҥ үлэһит аатыран хата сааҕа тиксэн хааллаҕым. Ол олордохпуна халлааны хайа сотон, кынат тыаһа иһилиннэ,онтон чугаһаатар чугаһаан эбии хойунна. Туох да хара баһаам элбэх ахсааннаах үөр кус күөлүм үрдүнэн эргийэ көтөн ааста. Мин ытарга бэлэмнэнэн хорос гына түстүм. Халыҥ үөр төннөн кэллэ эрээри, түспэккэ эргийэ көтөн ааһа турда, онтон иһиттэхпинэ уһун күөлгэ тиийэн, били-мээнэ быыстала суох халлаантан тугу эрэ тамнаан эрэллэрин курдук, "чол-чол" гына түспэттэр ээ. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, биэстэ эстэр саабын туппутунан ол диэки ыстанным. Чугаһаан кэлэн,кулгаахпын чөрөтөн истэбин, күөл үрдэ биир кэм мап-маатырҕас. Андрей, бу күөлгэ кус түспэт диэбитэ ээ, тоҕо манна кэлэн түстэхтэрэй? Отунан-маһынан хаххаланан күөлгэ ыкса киирдим,хомустар быыстарынан кус бөҕө уста сылдьара дьэ көһүннэ. Ытарга табыгастаах сири булан,хоһулаһалларын кэтэһэн,тыыммакка да турдум, хайдах ытыахтаахпын былаанныыбын. Хас да кус олус үчүгэйдик чөмөхтөстө, мантан ордук түгэн арааһа тосхойбото буолуо. Кыҥаан-кыҥаан баран,сыыйа-баайы чыыбыспын тардан эрдэхпинэ, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, уун-утары хомустар быыстарыттан тыылаах киһи эрдинэн күөлгэ киирэн кэллэ. Өссө киҥинэйэн ыллаабыттаах баҕастаах.
Кыл мүлчү киһини ыта сыыстым дуу? Мин онтон куттанан сүрэҕим айахпынан тахсан барыахча тэбиэлээтэ. Өрө хорос гынаат, кэннибинэн тэйэн тыаһаатым-ууһаатым. Хаарыан кустарым өрө көтөн тахсан, кынаттарын тыаһа быдан ыраата турда. Долгуйбутум бэрт буолан, саатар дайан эрдэхтэринэ ыппакка хааллым.Тыылаах киһи тыаспын-ууспун иһиттэ: -Ким баарый манна? Бу мин күөлүм, киэр буолуҥ! -Эн бачча элбэх куһу көрөн туран, соруйан үргүтээри устан киирэҕиҥ дуу, хайдах дуу? -Ханна баар кускун туойаҕыҥ? Мин манна илимниибин,хаһан илиммин киирэн көрөрбүн эйигиттэн ыйытыа суохпун. -Эмискэ киирэн кэлэҥҥин чуут-чаат буулдьа аһылыга буола сыыстыҥ дии,- хараҥаҕа кыҥастаһан дьэ өйдөөн көрбүтүм, кырдьык даҕаны илим көрө сылдьар эбит, өссө балык бөҕө иҥнибит. -Ытыалаан аҕай биэрэҕит,эһиги буулдьаҕытыгар сыыҥтыам этэ,-аҕам саастаах киһи илимин көрөн бүтэрэн, тыытын кытылга тиксиһиннэрдэ уонна мин диэки утары хааман кэллэ,туттара-хаптара эчи тэтиэнэҕиҥ. Куттанан, сэрэххэ кэнним диэки чугуруҥнаатым. Олох да оҕонньор эбит, чугаһаан сирэйбин-харахпын чинчийэн одууласта,онтон тута сылдьар балыктаах саппыйатын ыһыктан кэбистэ: -Эн эбиккин дуу, ол иһин даҕаны саҥаҕын истээт, эн буоларгын сэрэйбитим ээ. -Мин эйигин отой билбэ.., -Бачча ыраах сиргэ күрээн кэлэн баран, төһө эмэ сыл буолан баран, биир дойдулаахпын көрсүөм дии санаабатаҕым,-оҕонньор ыкса кэлэн олох да кууһан кэбистэ. -Бэйэ эрэ.., -Чэ ити курдук нууччалыы эҕэрдэлэстэхпит буоллун. Аныгы дьон нууччалары үтүктэн куустуһаллара-уураһаллара дэйэбиккэ дылы дии. Бэйэ мин эйигин ыалдьыттата ыҥырдахпына сатанар. Эмээхсиним барахсан билигин даҕаны баар эбээт,эйигин көрөн төһө эрэ үөрээхтиир. -Мин.., -Ээ, ити сааҕын бу маска өйөннөрөн кэбис, манна ким даҕаны сылдьыбат. Чэ, миигин батыс, хам-бааччы оллоонноон олорон эрэ сэһэргэһиэхпит. -Эн миигин кимниин эрэ бутуйдуҥ быһыылаах, мин эйи.., -Эс кэбис хайдах бутуйуом баарай,хата бэйэҥ бутуллубуккун быһыылаах,- кырдьаҕас биирдэ даҕаны ситэ саҥардыбакка быһа түһэн истэ. -Кырдьык билбэппин ээ,-мин оҕонньору кытта барсымаары куотуна сатаатым. -Күһүн, саас оннук буолааччыгын, билэр да дьоҥҥун билээччиҥ суох, ону мин өйдүүбүн,-оҕонньор саабын былдьаан ылан маска өйөннөрөн кэбистэ уонна күүһүнэн кэриэтэ дьиэтин диэки состо. Мин утарыласпатым. -Ханна бардыбытый? -Мин балаҕаным бу ойуур кэтэҕэр турар, күрүөйэх дьон быһыытынан саһан бүөмнээн олороохтуубут. Уруккум курдук туора муостааҕы,саппай сиэллээҕи үөр-үөрүнэн ииппэт буолан турабын. Онон балыктаан,туһахтаан эрэ айахпытын ииттээхтиибит. Дьиҥэр бу дойдуга байан-тайан көҥүл олороору күрээн кэлбиппит ээ. Ону баара былаастар обургулар билэн,манна даҕаны сүгүн олордубатахтара, куруук эккирэтэ сылдьаллар. Хата эн киһи обургу эрдэттэн билэн, тута дойдугар төҥнөҥҥүн абыраннаҕыҥ. Бэйэ эрэ онтон мин уолум ханна тиийдэ,эйигин кытта төннүбүт сурахтааҕа? -Тугу туойаргын олох өйдөөбөтүм... -Ээ,оччолорго эн оҕочоос буоллаҕыҥ,хантан кэлэн өйдүөн баарай. Оҕонньору кэнниттэн батыһан иһэн,дьэ сэрэйдим, пахай олох да түөһэйэн хаалаахтаабыт кырдьаҕас эбит. Хайдах дьонтон-сэргэттэн тэйэн, бэйэлэрэ эрэ олороохтууллара эбитэ буолла? -Дьэ, кэллибит тукаам, бу мин балаҕаным, балаҕаным да диэхтээн,күрүөйэх уйата диир ордук ини. Балаҕан халҕанын аһан киирээт,этим тардан ылла,олох былыргылыы олороллор эбит. Көмүлүөк оһохтоохтор, төгүрүк остуоллаахтар, талаҕынан оҥоһуллубут олох мастаахтар. Ол эрээри бэркэ диэн кичэйэн хаптаһын муосталаабыттар. Көмүлүөк иннигэр олорор,хатыаҕынан хатан,кырдьан буорайаахтаабыт,биир даҕаны тииһэ суох эмээхсин сааһыгар холооно суох чэпчэкитик ойон туран биһигини көрүстэ. -Эмээхси-иэн, көр бу, кими булан аҕалбыппын,-оҕонньор мииигин соһон аҕалан эмээхсин иннигэр туруоран кэбистэ. -Тыый, Батаапап илэ бэйэтинэн дуу,-эмээхсин олох улахаҥҥа уурбакка сирэйбин-харахпын туппахтаата,иэдэспиттэн имэрийбэхтээтэ. -Чэ,сыҥааххын аллараа түһэрэн туруон дуо? Күндү ыалдьыкка аскын бэлэмнии оҕус,хайаан даҕаны кымыскын кут, кистээн сытыарбыт күндү иһиттэргин-хомуостаргын булан таһаар. Бу эмээхсин миигин хантан биллэ, Батаапап диэн чуо араспаанньабынан ааттаата буолба-аат. Онтон мин кинилэри тоҕо билбэппиний, дьиҥэр мин дьону биирдэ көрдүм даҕаны хаһан да умнааччым суох ээ, оннук кытаанахтык мэйиибэр иҥэн хаалааччылар. Ас астанан,остуолга тардыллыар диэри бу оҕонньордоох, эмээхсини ханна,хаһан көрбүппүн өйдүү сатаатым даҕаны саараама кыаллыбата. Ити оҕонньор, күрүөйэхтэрбит диэтэ дуу, арааһа тоҕус уонус сыллардаахха дьону албыннаан баран,куота сылдьаллара буолуо. Эс, кэбис ону баҕас мин билиэм этэ. Мин эмиэ,оҕо сылдьан кинилэри кытта куотан иһэн, дойдубар төннүбүтүм курдук тылласпыта ээ.Суох,суох кимниин эрэ бутуйаллар, Потапов диэн араспаанньа дэлэй буоллаҕа. Мин харааччы бутуллан хааллым, эмиэ даҕаны олох билэр дьоммун,биир дойдулаахтарбын билбэккэ дылыбын,эмиэ да харахтаан көрбөтөх дьонум курдуктар. -Күндү ыалдьыппыт, бу олох маска олорунан кэбис, ыһа-тоҕо кэпсии-кэпсии ас амтаннааҕын аһаа, уохтаах кымыста ис. Бачча аныгы үйэҕэ уу сахалыы аһыыр дьон буоллахтара дуу, эмиэ да куобах этэ,эмиэ да собо. Туус, перец диэни туттубаттар дуу, луоска,биилкэ баара көстүбэт. Тойон дьиэлээх кымыһын хантатан истэ уонна:
Ити кыыс туох да сылтаҕа суох икки ытыһынан иэдэспин дэлби таһыйан кэбиспититтэн дэлби кыыһыран,кытарыахпынан кытаран, балаҕан халҕананын хайа тардан, көтөн түстүм. Талах олоппоһу атахпынан бэйэм диэки тардан ылан, "лах" гына олоро биэрдим уонна тойон дьиэлээҕи уолуктаан ылыахча, ыкса чугаһаан,сирэйин өҥөйөн: -Мин Микиитэ буолбатахпын,көрөҕүҥ дуо бу сирэйбин!!! Ханнык Микиитэҕэ маарынныыбыный?! Ити кыыс тоҕо туох да сылтаҕа суох сирэйбин таһыйда?! -Бэйэ тукаа-ам,чуу-чуумпура тү-түс,-оҕонньор обургу,киһи эрэ буоллар, сирэйим-хараҕым турбутун, кытара кыыһырбыппын көрөн, куттанна быһыылаах, кэлэҕэйдээн ылла. -Эһиги бу туох дьоҥҥутуй,кимтэн куота сылдьаҕыт, тоҕо куота сылдьаҕыт?! Абаккабар үрүт-үрдүгэр ыйыталаһан куттум-симтим. -Тукаа-ам, сыыйа-баайы кэпсиим эрэ.., -Дьэ,кэпсээн абыраа. -Эһээн оҕонньору өйдүүр инигин? -Ийэм да өттүнэн,аҕам да өттүнэн эһээлэрбин билбэппин. -Кэбис-кэбис,инньэ диэмэ. Ийэлээх,аҕан өлбүттэрин кэннэ, эһээн барахсан эйигин собус-соҕотоҕун иитээхтээбитэ ээ. Кэлин киниэхэ кутуруксут буолан, кыырар таҥаһын, дүҥүрүн кыбына тутан, куруук батыһа сылдьар буолааччыгын дии. Ону баҕас өйдүүр инигин? -Оннук-оннук, дойдубутугар эрдэхпитинэ, биһиги балаҕаммытыгар хонон-өрөөн,күндү ыалдьыт буолан ааһааччыгыт,-кэпсэтиигэ эмээхсин кыттыста. -Оҕонньордоох,эмээхси-иэн, кырдьан буорайаахтаабыккыт,түөһэйэн эрэҕит быһыылаах,- мин буор-босхо сирэйбин таһыйтараммын, кыыһырбытым өссө уоста илик. Аны дьиэлээхтэри олох да үөҕэн-сэмэлээн бардым. -Эһээн барахсан, Баппаҕай кырдьаҕас, эйигин бэркэ диэн көрүүлэнэр, ааттаах ойуун тахсыыһы, эт туттар эрэ илбиспин иҥэриэм диэхтиирэ. Кини киһи ойуунтан эрэ ураты төп-төгүрүк дүҥүрдээх этэ. Мин эһиги, ойууннар, курдук сатаан көрүүлэммэппин,ол эрээри тоҕо бу дойдуга кэлбиккин курдаттыы сэрэйэ олоробун. -Ол тугу сэрэйэҕиҥ? -Көр эрэ, ити алааска урут Төгүрүк күөл суоҕа ээ, биир кэлимсэ уһун күөл этэ. Баппаҕай кырдьаҕас бу күн сириттэн куотан,хара буору уоппутун кэннэ, дьикти бэйэлээх төгүрүк дүҥүрүн мин харайан кистээн сытыарбытым. Дьэ доҕоо-ор, биир күн хам-бааччы олордохпутуна, уонча киһилээх кыһыл этэрээтэ биһигини ирдээн кэлэн, сорбутун сордообуттара, бары сүүрбэччэлээх эрэ эдэркээн баҕайы оҕолор этилэр. -Баайгытын,көмүскүтүн,харчыгытын ханна кистээн сытыараҕыт? Дии-дии үлтү кырбаан сорбутун сордообуттара. Баҕайылар балаҕаммытын дэлби үрэйэн, чугас эргин тыаны чүүччэйэн, сүөһү-сылгы атыылаһан,бу сиргэ баайдык-тоттук олоруох буолбут, дойдубуттан соһон-сыһан аҕалбыт көмүспүн бүтүннүү булан ыллахтара үһү. Тугу да өрүһүйбэккэ хаалбытым, арай ити эн эһээн төп-төгүрүк дүҥүрүн мүлчү туттаран,түбэһиэхчэ харбаан ылан, буутум быстарынан алаас диэки сүүрбүтүм.Ону аттаах дьон өр гыныахтара баара дуо, ситэн кэлбиттэрэ, кэннибэр биир кэм туох эрэ тыас өрө тырылыы түспүтэ. Мин охтон иһэн дүҥүрү күөл диэки кыыратан кэбиспитим. Дьэ ол күнтэн ыла күммүт-дьылбыт дэлби бутуллан хаалла ээ, кэм-кэрдии муннаран кэбистэ,илэтэ-түүлэ биллибэт дьикти олохтонон хааллыбыт. Эн киһи эһээн тэҥэ көрүүлэнэр-биттэнэр эбит буоллаххына ити күөлтэн дүҥүрү булан таһааран, тоҥсуйан көрүөн буолаарай? Туох-ханнык олоххо тиийэн хаалбыппытын быһаардаргын. Көр эрэ, ити дүҥүрү бырахпыт сирбинэн күөл быһа ойдон, сыыйа-баайы төп-төгүрүк буолан хаалбыта ээ. Онон дүҥүр Төгүрүк күөлгэ сытар буолуохтаах. Өбүгэ итэҕэлин улахаҥҥа уурбат, саҥа былааһы олохтуур кыһыллар дүҥүргэ соччо-бачча кыһамматахтара,кинилэр көмүһү-харчыны эрэ сырсар сордоохтор баайбын-дуолбун ылбыттара да,аттарын кымньыылаан көтүтэ турбуттара. -Тукаам,оннук гыннаргын абырыа эбиккин, бутуллан хаалбыт дьоҥҥо суолбутун ыйан биэрдэргин,-кэпсэтиигэ эмээхсин кыттыста. Мин маҥнай утаа оҕонньордоох,эмээхсин букатын иирбиттэр,өйдөрө бааллыбыт дуу, дии саныы олордохпуна, Баппаҕай кырдьаҕас диэн ааты чуо ааттаан,оройго бэрдэрбит курдук, дөйөн саҥата суох олорон хааллым. Баппаҕай кырдьаҕас диэн кырыыһынан баппатах хара ойуун, мин хос-хос эһээм. Кини туһунан эбээм эмээхсин дөрүҥ-дөрүҥ кэпсиир этэ. Микиитэ диэн киһини эмиэ биирдэ эмэ ахтан ааһааччы, бутуйбат буоллахпына ити мин эбээм тастыҥ убайа буолуохтаах. Түҥ былыр өлөн хаалбыт дьону, сатана оҕонньоро бу баардыы кэпсиирин,эбиитин кыһыл этэрээтин аҕалан булкуйарын истэ олорон, сыыйа-баайы этим тардан,тымныы көлөһүн биир кэм саккыраан барда. Онно дьэ өйдөөн көрбүтүм, оҕонньор хараҕа кубус кураанах эбит, мээнэннэн көрө сылдьар,эмээхсин хараҕа биир оннук. Пахай,өлбүттэрэ быдаҥнаабыт дьону кытта атах тэпсэн олорон, сэһэргэһэр эбиппин! Мин киһи хайдах тута билбэтэҕим эбитэ буолла? Куттанан олоппоспуттан тиэрэ таһыллан,сиргэ "лах" гына олоро биэрдим уонна ойон тураат, харахпын быччаччы көрбүтүнэн таһырдьаны былдьастым. Атах балай билэрдии күөл диэки тэбинним,атын барар сирим суох да буоллаҕа. Сүүрэн кэлээт дурдабыттан түлүпүөммүн ойутан таһаардым уонна Андрейга эрийэн куугунаттым. Куттаммытым бэрдиттэн сыыпараларбын түҥ-таҥ баттаталыы турдахпына аттыбар Алаапыйа баар буола түстэ. -Эмиэ куотаары оҥостон эрэҕиҥ дуу? Соһуйан түлүпүөммүн мүлчү тутан кэбистим. Алаапыйа хараҕын утары көрбүтүм,эмиэ кубус-кураанах. -Эн эмиэ үөргүн дуу? -Тугу лахсыйаҕыҥ? Алаапыйа кырдьык тугу даҕаны өйдөөбөтөхтүү хардары ыйытта. Ити ыйытыыттан хайдах эрэ куттаммытым эмискэ ааһан хаалла. Харахпын быһа симэн,биир кэм төбөбүн илгиһинним,онтон харахпын арыйбытым оҕонньордоох эмээхсин бу кэлэн иннибэр тураллар эбит. -Микиитэ-ээ, дүҥүрүн бу манна сытар буолуохтаах,-оҕонньор олох холку, Төгүрүк күөл диэки ыйда. -Ону мин хайыыбыный? -Тукаа-ам,манна чычаас эбээт,тэпсэн киирэҥҥин аналлаах дүҥүргүн ылларгын бэрт буолуо этэ,-эмээхсин оҕонньорун кэннигэр саһан туран, тыл кыбытта. Эмээхсин саҥарбытыгар арыый да уоста быһыытыйан,истигэн оҕо курдук, күөл диэки хаамтым. Тобукпар диэри тэпсэн киирэн баран, кэннибин хайыһан, "дьоммун" көрөбүн. Эрэйдээхтэр үһүөн кэккэлэһэн тураахтыыллар,бэркэ ыгылыйбыт көрүҥнээхтэр, кинилэр салгыы олохторо миигиттэн тутулуктааҕын курдук тугу эрэ кэтэһээхтииллэр. Мин саппыкым кылгаһа бэрт буолан, атахпар уу бөҕө баһыллан киирдэ. Тугу көрдүүрбүн бэйэм даҕаны соччо-бачча өйдөөбөппүн. Сотору олох быарбынан ууга киирдим,онтон туохтан эрэ халтарыйан,тиэрэ таһыллан хааллым. Ойон туран иһэммин ууттан тугу эрэ харбаан таһаардым. Ону көрөн,оҕонньор: -Булла-аа,-диэн хаһыытаан эрэрэ, атыттар "һуу" дэһэ түстүлэр. Онтон мин тоҕо эрэ кытыл диэки ыксаабаппын, хаҥас илиибинэн дүҥүрү өрө көтөҕөн таһаардым, ону кытта тэҥинэн мэйиим эргийэн, умса баран түһүөхчэ түспэтим,тиэрэ баран түһүөхчэ түспэтим. Халлааным икки аҥыы хайдан эрэр курдуга да, хотой кыыл буоламмын өрө көтөн тахсан, сурулуу турдум.
Сурулуу-сурулуу өрө көтөн тахсан эрэр курдугум, онтон эмискэ аллараа диэки курулаатым да, бэрт кыра ханнык эрэ дэриэбинэҕэ баар буола түстүм. Бу мааҕын куораттан кэлэн иһэн көрбүт дэриэбинэбитигэр маарынныыр дии. Арааһа Никольскай диэн ааттаах этэ дуу, оннук эбит Никольскай. Биир сэнэх дьиэҕэ көтөн киирэн, бастыҥ ороҥҥо олорунан кэбистим. Ол олорон, айахтара хам буолбакка аһыы олорор дьиэлээхтэри кэрийэ көрүтэлиибин. Бу утары олорор дьиэлээх тойон быһыылаах, бытыгын туора сотто-сотто: -Ньукулай манна олохсуйуҥ, кыһыллар бу диэки дьаарбайбаттар, мантан ыла кэлбэттэр да ини. Кэллэхтэринэ даҕаны, сүүһүнэн ахсааннаах этэрээти,көрүөх бэтэрээ өттүгэр тэринэ охсон,ээхтэрин этитиэхпит. Сылгы-сүөһү атыылаһан,уруккугут курдук байан-тайан олоруо этигит буоллаҕа. -Лэгэнтэй, мээнэ тыллаһыма, түүл-бит соччото суох. Сүүһүнэн да ахсааннаах этэрээт абырыа суох курдук көрөбүн. -Баппаҕай кырдьаҕас туох диэн тылластаххыный. Биһиги сахалар буоллахпыт дии,булка үөрүйэхпит. Саабыт-саадахпыт даҕаны бүтүннүү омук киэнэ, баҕайы бэһиэччиктэрин сүүстэрин тобулута ытыалаан кэбиһиэхпит. Кинилэр мин дойдубар кэлэн,көҥүл тэпсэ сылдьыахтаахтар үһү. Дьэ мин дойдум туһугар саа-саадах тутан кыргыһан баран охтуом эбээт. Түөлбэм дьоно бука бары ити курдук хорсун санаалаахтар, -Лэгэнтэй иннин биэрбэт. -Дьэ оччоҕуна сэрии буоллаҕына сэриилэһэбит диэ,-сирэйдиин-харахтыын Ньукулай диэн киһиэхэ маарынныыр эдэр киһи,сэрэйдэххэ Ньукулай уола, кэпсэтиигэ кыттыста. Ол эрээри саа-саадах тутан сэриилэһэриттэн саллара өтө көстөр. -Дьөгүөр бэйэ, мээнэ саҥарыма, эйигинэ да суох сэриилэһиэхтэрэ,-аҕата буойда. Ньукулай диэн Төгүрүк күөлгэ олохсуйбут оҕонньор эбит. Онтон бу Дьөгүөр-Андрей хос эһээтэ эбит буолбат дуо. Үкчү кини эдэр сылдьан,ону баҕас мин эндэппэккэ биллим. Андрей хос эһээтин оҕо сылдьан күн аайы көрөр буоллаҕым. Оччотугар Ньукулайбыт Андрей хос-хос эһээтэ эбит дуу, дьэ буолар да эбит. Хос-хос эһээтэ олохсуйбут алааһыгар бултуур-алтыыр эбит дуу. Ону билэрэ буолуо дуо? Онтон ити кэтит көҕүстээх,остуол биир өттүн бүтүннүү сабыардаан олорор,баппат абааһылаах, мин хос-хос эһээм. Эчи кэтитин,илиитэ-атаҕа эчи суонун, аҥардас ытыһа улаханыттан киһи саллыах,ол иһин Баппаҕай кырдьаҕас дэнэн эрдэҕэ. Кини баҕас бу дьон курдук сытыйа байбатах буолуохтаах,саҥа былаастан көмүскүүр баайдааҕа дуу,суоҕа дуу. Ол эрээри кини ойуун, онтон саҥа былаас ойууннары эккирэтэ сылдьан бултаһара саарбаҕа суох. Онтон Микиитэ уонна Алаапыйа ханна баалларый,тоҕо манна көстүбэттэрий? Мин өрө тахсан, дэриэбинэни үрдүнэн элиэтээтим. Ол-оол өрүс кытылыгар уон биэстээх-алталаах эрэ уоллаах, кыыс кэккэлэһэ олороллор. Мин тэйиччи соҕус аарыма тиит маска кэлэн түһэбин уонна тугу кэпсэтэллэрин чуҥнуубун. -Алаапыйа, мин дойдубун олус аҕынным, бу түүн дойдубар төннөбүн,- Микиитэ өрүскэ тааһы тамнаатыы олорон саҥарда. -Баппаҕай эйигин ыыппат ини, хонноҕун анныгар уктан сытыа. -Күрүөм,син-биир күрүөм. Ол турар тыылартан ханнык тыыны уоран барарбын хайыы-сах бэлиэтии көрбүтүм. -Тоҕо күрүү сатаатыҥ,онно нууччалар сирбитин-уоппутун былдьаабыттара дии. -Ол нууччалар сарсын манна кэлиэхтэрэ. -Ону эн хантан билэҕиҥ? -Ону мин түүһээн көрбүтүм. Кыһыллар күлэ-күлэ атынан эккирэтэ сылдьан, батыйаларынан дьон хабарҕаларын хайыта сотон өлөртүөхтэрэ уонна биир кэм "получай дьикээр" диэн хаһыытыахтара. -Сымыйалаама. -Кырдьык,мин эмиэ Баппаҕайтан туох да итэҕэһэ суох ойууммун ээ. Алаапыйа итини истээт күлэн тоҕо барда: -Эн ойууннаабытыҥ диэхтээн,-күлэрин быыһыгар сэмэлээтэ. -Итэҕэйбэккин дуо,оччоҕуна хаал. Мин эйигин илдьэ барыахпын баҕарбытым ээ. -Кырдьык дуо? -Кырдьык. -Тоҕо? -Мин эйигин таптыыбын,ол иһин. Дойдубутугар тиийэн туһунан ыал буолан олоруохпут этэ буоллаҕа. -Оччоҕуна илдьэ бар. -Сөп. Түүн туруоруом. Утуйбакка сытаар. -Сөп. Уоллаах кыыс кэккэлэһэ хаамсан дэриэбинэ диэки бардылар. Бэс ыйын бүтүүтэ,түүн үөһэ да буоллар халлаан сырдык. Микиитэ суорҕанынан сууланан утуйбута буола сытар, ол эрээри кини бу түүн утуйар санаата суох. Алаапыйалыын хайдах ыал буолан бур-бур буруо таһааран олоруохтааҕын ыраланар. Балаҕан буолбакка, нууччалыы дьиэ туттуо, хотонун тэйиччи соҕус гыныа.Элбэх да элбэх сүөһүлэниэ,сылгыланыа,киэҥ сири кэрийэ хааман бултуо-алтыа. Ити курдук ыралана сыттаҕына Дьөгүөр кэлэн тардыалаата,оргууй сибигинэйэн: -Микиитэ тыаһаабакка таҥнан, таһырдьа таҕыс эрэ,-диэтэ уонна бэйэтэ тахсан бара турда. Микиитэ таҥнан тахсыбыта,Дьөгүөр табаахтаан бусхата туран: -Тугу түүһээбиккин кэпсээ эрэ. -Ону эн хантан билэҕиҥ? -Алаапыйа кэпсээтэ. -Оччоҕуна кини кэпсээбитин курдук,онтон ордугу кэпсиирим суох. -Оннугар барыахха,иккиэн күрүөххэ. -Онтон Алаапыйа? -Кини хаалара ордук. Мин аҕам даҕаны,кыыһым Алаапыйа даҕаны бандьыыттаабатахтара,кыһыллар кинилэри хайыахтара даҕаны суоҕа. Онтон дьиҥнээх бандьыыт мин баарбын, миигин туттахтарына барыбытын сииллэр. Онон мин күрээтэхпинэ, кинилэргэ даҕаны, миэхэ даҕаны быдан ордук буолуо. Сэрии бүттэҕинэ Алаапыйаны төннөн кэлэн ылыахпыт,ону туох дии саныыгын. -Эмиэ даҕаны сөптөөҕүн этэр курдуккун. -Чэ оччоҕуна бара охсуохха. Микиитэлээх Дьөгүөр өрүскэ киирэн,бэлиэтэммит тыыны уоран,харса суох эрдинэн уста турдулар. Балай эмэ ырааппыттарын кэннэ, халлаан хайа барар үлүгэрдээх тыаһа иһилиннэ. -Ити туох тыаһаата? Микиитэ ыйытта. -Ити кыһыллар буускаларын тыаһа. Дьэ быһыыта сиэн-аһаан эрэллэр ээ. Бууска кэнниттэн биир эмэ тыыннаах киһи хаалара дуу,суоҕа дуу. -Дьоммутун өрүһүйүөххэ, төннүөххэ. -Билигин кэлэн тугу даҕаны,кими даҕаны өрүһүйбэккин. Ону баҕас мин өлөр өлүүгэ,үгүс кыргыһыыга сылдьыбыт киһи билэбин. -Куттас,нууччалартан куттанаҕыҥ,-диэн баран Микиитэ ууга ыстанан кэбистэ уонна харса суох дэриэбинэ диэки харбаабытынан барда. Кини өйүгэр билигин күндү доҕоро Алаапыйа эрэ. Эрийэ-буруйа харбаан кытылга тиксэн иһэн көрбүтэ, сатыы дьон сарыласпытынан өрүс диэки сүүрэн аҕай иһэр эбит. Сорохтор тыыны былдьастылар, сорохтор ууга ыстанан харбаабытынан бардылар. Онтон тута аттаах дьон сырсан кэлэн,сааларынан ытыалаан субуруттулар. Буулдьаҕа таптарбыт дьон аймалҕана, хаһыыта-ыһыыта хойунна. Ону ол диэбэккэ аттаах дьон ыталларын кубулуппаттар. Биир эдэркээн баҕайы нуучча киһитэ атыттан ыстанан түһээт: -Получай дикарь! Диэн хаһыытаан эрэрэ да, Микиитэ сүүһэ уот аһыйа түстэ,тула өттө хараҥаран, соҕотохто уу-чуумпу буолан хаалла.
Микиитэ,уол оҕо батахсан, сытыы буулдьа аһылыга буолан, олоҕо итинэн муҥурданнаҕа. Сыыйа-баайы өрүс түгэҕин диэки тимирэ турда,билигин кини балык аһылыга эрэ буолаахтаатаҕа. Бу Орто дойдуга төһө даҕаны хара ойуун кутуруксута буола сырыттар,баҕар кэлин эт тутан, сайдан аар саарга биллэр,аатын ааттатар ойуун буола үүнүө эбитэ дуу. Бэйэ хара ойуун анала кырыһынан эрэ түмүктэммэт эбээт, кини Аллараа дойдуттан абааһылар ааннаан, алдьархайы аҕалан эрэллэрин эрдэттэн билэн-көрөн, бар дьонун сэрэтэр өҥөлөөх. Билигин Микиитэҕэ хайдах даҕаны көмөлөспөккүн. Мин халлаан устун элиэтээн, дэриэбинэҕэ туох буола турарын чинчийэбин. Уулуссаҕа киһи бөҕө өлөн сытаахтыыр, саа тутан умса хоруйбут баара көстүбэт. Сэрэйдэххэ,итиччэ үлүгэрдээх бууска тыаһыттан куттанан, тута куотар аакка бараахтаабыттар быһыылаах, саа-саадах тутан сэриилэһэн эрэр чинчилэрэ баара биллибэт. Бу сордоохтор, бачча үйэҕэ диэри бултаан-алтаан, сүөһү-сылгы көрөн, айахтарын ииттэн олорбут дьон хантан кэлэн, сэриилэһэргэ, өлөрөргө-өһөрөргө үөрүйэх кыһыл этэрээтин утары сатаан кыргыһыахтарай. Туох буруйдаахтарыгар уулуссаны биир гына хара буору уобан сытаахтыылларый? Эмискэ бэйэлээхтик киһи куйахыта күүрүөх хаһыы иһилиннэ, Лэгэнтэй обургу саатын туппутунан дьиэтиттэн ойон таҕыста, түбэһиэхчэ бэтэрээ турар аттаах киһини ытан саайда. Киһи өлөн,тиэрэ тарылыс гынан хаалла, ата соһуйан буута быстарынан уулусса устун сүүрэ турда. Хаһан иккистээн саатын ииттиэр диэри, хас да красноармеец үрүт-үөһэ ытыалаан субуруттулар, Лэгэнтэй турбахтыы түһэн баран,хараҕын үрүҥүнэн көрөн,умса баран түстэ. Кыһыллар дьиэҕэ сырсан киирдилэр уонна саһан олорбут дьону бука барыларын кырбыы-кырбыы умсарыта анньыалаан таһырдьа таһаардылар, олбуор иннигэр кэчигирэччи туруортаатылар. Муус маҥан атынан, кыра соҕус уҥуохтаах,баттаҕын өрө анньыммыт, киэҥ харахтаах, сып-сырдык бааһынайдыҥы хааннаах, өссө хамыһаар тэҥинэн тирии сонноох,бистэлиэттээх саха киһитэ, көтүтэн кэлэн, атыттан ыстанан түстэ: -Что случилось? Диэн ыраастык нууччалаата. -Вот поймали бандитов, в этом доме прятались. Убили нашего бойца,-биир красноармеец чиккэйиэҕинэн чиккэйэн туран, хоруйдуу оҕуста. -Всех расстрелять, дом сжечь! Дьэ кытаанах киһи, дьаһала да оннук. -Бэйэ тукаам, тохтоо эрэ,-мин хос-хос эһээм саха хамыһаарын санныттан харбаан ылла. -Киэр гын илиигин, бандьыыт! Букатын оҕочоос хамыһаар,обургу бэйэлээх киһи санныттан харбаан ылбытыгар ыксаан, хараҕын эрийэ-буруйа көрбөхтөөтө. -Иһит эрэ, бу дьон туох даҕаны буруйдара суох,- Баппаҕай кырдьаҕас обургу тарбаҕынан Ньукулай,кини ойоҕун уонна Алаапыйа диэки биир-биир ыйаттаата,- балар мин чаҕырдарым, эһиги былааскыт дьоно. Ыыталыырыҥ буоллар ордук этэ,- диэн албыннаан кууһуннарда. Хамыһаар, Ньукулайдааҕы кэрийэ сылдьан, кичэйэн көрүтэлээтэ, биир-биир чинчийбэхтээтэ,онтон нууччалыы-сахалыы булкуйан: -Это ваш тойон, кырдьыгы этэр дуо? Ньукулай хамыһаар иннигэр тобуктуу биэрдэ уонна: -Кырдьыгы этэр,тойонум. Бука диэн босхолоон биһигини киниттэн уонна саас тухары буор-босхо үлэлээбит хамнаспытын мас курдук субу күн төлүүрэ эбитэ буоллар. Хамыһаар баппаҕайга ыган кэллэ, хантайыаҕынан хантайан туран: -Туоххунан төлүүгүн хамнастарын? Диэн ыйытта. -Онтон ити сыарҕалаах аппын биэрэн эриэм, кэлин.., -Кэлин не будет. Ты враг народа.., билигин эйигин просто расстреляют. Өйдөөтүҥ дуо, баламат акаары? -Өйдөөтүм. Онтон күн сириттэн матаары туран, саатар аппар кэриэс тылбын этэрбин көҥүллүүр инигин. -Аккар? -Аппар. -Аккар буоллаҕына көҥүллүүбүн,-хамыһаар киэр хайыста уонна,-вот дикарь,-диэн ботугураата. Баппаҕай атын төбөтүн кууһан туран, тугу эрэ ботугуруур. Ол кэмҥэ Ньукулайдаах чугаһаан кэллилэр: -Баппаҕай, хайдах буолабыт? Ньукулай сибигинэйдэ. -Эһигитини босхолоотулар, айан суолугар тахсан тус хоту диэки айанныы туруҥ. Онно тиийэн Мырааҥҥа кэтиллиэххит,өрө дабайан,хаҥас диэки салайдаххытына уһун күөллээх бэртээхэй алаас баар,ол алааска олохсуйаарыҥ. Мин дүҥүрбүн хараҕын харатын курдук харыстыы сырыт,ыксал тирээтэҕинэ күөл диэки кыыратан кэбиһээр. Оччотугар бу Орто дойдуга ойуун аатыран, эргиллэн кэлиэм этэ буоллаҕа. Чэ,санаалара уларыйа илигинэ бара охсуҥ, мин бу кыайардары аралдьытан сааратан эриэм. -Тыыммытын өрүһүйбүккэр барҕа махтал,- Ньукулайдаах сыарҕаҕа симиллэн, айанныы турдулар. -А, этого гиганта? -Этого гиганта в расход. -Прямо тут? -Прямо тут,-хамыһаар дьаһайан баран, тэйиччи хааман биэрдэ. Саалаах дьон Баппаҕай иннигэр кэлэн, ытарга бэлэм турунан кэбистилэр, бу киһини өлөрөн эрэбит диэн эттэрэ тардара да баара көстүбэт. Хамыһаар дьаһайарын кэтэһэн,кэчигирэһэн тураллар. -Прицелиться,-кэмниэ кэнэҕэс хамыһаар хаһыытаан тэһэ барда. Эдэркээн баҕайы нуучча уолаттара сааларын ииттэн Баппаҕай кырдьаҕаһы кыҥаатылар.Онтон: -Огонь! Диэн дэлбэрийдэ эрээри биир эмэ саа эстэн абыраабата. Иккистээн хаста да хаһыытаата: -Огонь! Огонь! Огонь! Суох, уу-чуумпу. Хамыһаар ыксаан,дьонугар чугаһаан кэллэ. Арай доҕоо-ор! Дьоно бука бары сааларын туппутунан,туран эрэ утуйан хаалбыттар. Дьэ, Баппаҕай кырдьаҕас албаһын көрүҥ эрэ, аныгылыы эттэххэ гипнозтаан кэбиспит эбит. Хамыһаар дьонун тардыалыы-анньыалыы сатаата эрээри, биир даҕаны киһи уһуктубата.Ол быыһыгар дьиктиргээбиттии кырдьаҕас диэки кылап-кылап көрөн ылар. Киһитэ күн кыһалҕата суох халлаан диэки хантайан турар. Онтон дьэ өй ылан атын дьону ыҥыртаата. Чугас сылдьар байыастар сүүрэн кэллилэр эмиэ ытарга бэлэмнэммитинэн бардылар. Сааларын ииттэн, хамыһаар дьаһалын кэтэһэллэр. -Огонь! Диирин кытары, саалар тыастара тэбис-тэҥҥэ өрө хабылла түһэр. Суох, Баппаҕай кырдьаҕас олох да охтубат, халлаан диэки хантайан, турбутун курдук, турар. Хамыһаар хараҕын тиэрэ көрөн,Баппаҕайга чугаһыыр, хантайан түөһүн одуулуур, бэл диэтэр туппахтаан көрөр. Биир даҕаны дьөлөҕөс суоҕуттан бэркэ диэн соһуйар, онтон дьэ сахата таайан, кэннинэн чугуруҥнуур: -Шаман? диэн биир эрэ тылы ыган таһаарар. Баппаҕай бу дьону эмиэ харахтарын баайан, чохчойон биэрбитэ, арай кинилэр көрдөхтөрүнэ хам-бааччы турар курдук. Бука бары түөскэ кыҥаан ыппыттара,буулдьалара халлааны таһыйан ааһа турдаҕа. Ыппыт дьон бэйэлэрэ соһуйан,сирэй-сирэйдэрин көрсөллөр, сааларын эргитэ сылдьан, тутан-хабан уорбалыыллар. -Как так? Дэһэллэр. -Повесить его! Хамыһаар хайдах бу ойууну өлөрүөхтээҕин быһаара охсор. Саа уоһунан кэйиэлии-кэйиэлии айан суолун диэки илтилэр, манна сөптөөх соҕус кэтит тиити булан,ыйыырга бэлэмнээтилэр. Дэриэбинэттэн илдьэ кэлбит талах олоппосторун тиит мас анныгар туруоран кэбистилэр. -Быаны моонньугар кэтэн баран, бу олоппоско тахсан тур,-хамыһаар дьаһайда. -Бэйэҕит кэтэрдэргит ордук буоулуо этэ,-Баппаҕай кырдьаҕас отой холку. Биир байыас дьиксинэ-дьиксинэ чугаһаата уонна быаны ылан, Баппаҕай моонньугар кэтэрдиэхчэ буолан иһэн, сарылаан тоҕо барда. Ыксалга кутталыттан ыстааныгар ииктээн кэбистэ: -У него очень много голов,-дии-дии саатын быраҕан, атах-балай сүүрэ турда. Хамыһаар бэйэтин дьонугар кыыһыран,үөхсэн тоҕо барда уонна быаны хаба тардан ылан,кынчарыйа-кынчарыйа алларааттан үөһээ ойуун хараҕын уун-утары көрдө, биирдэрэ бу өлөн эрэбин диэн санаата суох,олус холкутук быар куустан турар. Хамыһаар туох эрэ диэн нууччалыы-сахалыы үөхсэр, силэ биир кэм бырдаҥалыыр. Онтон доҕоо-ор, ылла да быаны бэйэтин моонньугар кэтэн кэбистэ уонна талах олоппоско ыттыбытынан барда. Көрөн турбут дьон хамыһаардарын быыһаары харбыаластылар, нэһиилэ өйүгэр-төйүгэр киллэрэн,өйөөн-бигээн олоппостон түһэрдилэр. Ону барытын саҥата суох көрөн туран баран, Баппаҕай кырдьаҕас киһи этэ тардыах айылаахтык күлэн тоҕо барда, Ону истэн сорох-сорохтор куттанан үрүө-тараа сырыстылар,сорохтор сиргэ олоро биэрдилэр. -Бу оҕочоостор,хара сордоохтор киһи тыынын сатаан быһымаары гынныгыт дуу? Бэйэ эрэ кэл эрэ манна,- Баппаҕай кырдьаҕас саха хамыһаарыгар ыган кэллэ,биирдэрэ бистэлиэтин харбаан таһаара сатыы-сатыы кэннинэн чугуруҥнаата.Ол быыһыгар биир кэм: -Чу-чу-чу-чугаһаама,-дии-дии кэлэҕэйдиир. -Тукаам, куттаныма. Хайдах миигин өлөрөргүн сүбэлээн биэриим эрэ. -О-о-ол хайдах? -Ити томтор сиргэ туруору ииҥнэ хаһын уонна онно төбөм оройунан түһэрэн баран,тыыннаахтыы көмөн кэбиһиҥ. -Сөп-сөп,-хамыһаар ону истэ-истэ билигин даҕаны бистэлиэтин хостуу сатыыр да, тоҕо эрэ бистэлиэтэ оронон тахсан абыраабат. -Тукаам, ол эрээри онтукан биир ноолоох. -О-о-о-ол туох? -Оннук көмтөргүн мин өлөрүн өлүөм,ол эрээри ханна даҕаны тиийдэргин кырыһым эйигин эккирэтэ сылдьыа. Ол эбэтэр бу олохтоспут саҥа былааһын эйигин уонна эйигинньиктэри оннугутун буллартыа, саас-үйэ тухары хаайыы дьоно буолаҥҥыт эрэйи-муҥу көрүөххүт. Дьоҥҥут-сэргэҕит утары барбыккыт, итэҕэли самнарбыккыт мээнэҕэ хаалыа суоҕа. Эбэтэр эйэ дэмнээхтик миигин ыытан кэбис, оччоҕуна атырдьах маһыныы арахсыахпыт, бу Орто дойдуга аны хаһан даҕаны көрсүөхпүт суоҕа. -Мин ко-ко-коммуниспын, э-эн этэргин итэҕэйбэппин. -Дьэ оннугар көмөн эрдэххит, мин киһи хаһан эрэ бу Орто дойдуга кыһыл оҕо буолан төрөөн, күөх окко төкүнүйэн, илэ эргиллэн кэлиэм. Онтон эн Бу Орто дойдуга албаҥ аатын эрэ баҕар хаалыа,онтон кутун саас-үйэ тухары анараа дойдуга иҥнэн сытыйыа, абааһы аһылыга буолан симэлийиэ. -Ройте яму! Хамыһаар ойуун тылын аанньа ахтыбата,дьонун дьаһайан, хаһыытаан тэһэ барда. Сотору этиллибитин курдук туруору ииҥ хаһан, Баппаҕай кырдьаҕаһы төбөтүн оройунан түһэрэн, сири кытта тэҥнээн көмөн кэбистилэр. Никольскай дэриэбинэтин иһэ дьахтар икки,оҕо-аймах икки ытаһыытынан туолла. Кыһыллар сааларынан тирии-тирии, ордон хаалбыт олохтоохторунан ииҥ хастардылар уонна уулуссаҕа сытар,өрүс кытылыгар охтубут сүүһүнэн өлүктэри тастаран, көмөн кэбистилэр. Ууга тимирбиттэри көрдүү барбатылар. Бу кэмҥэ Ньукулайдаах айан суолугар тахсаат, аттарын кымньыылаан кэбиспиттэрэ, тус хоту диэки бууттара быстарынан түһүнэ турбуттара. Хата кини киһи сыарҕатыгар от анныгар кистээбит көмүһүн, баайын-дуолун ону кытта Баппаҕай кырдьаҕас дүҥүрүн кыһыллар чинчийэ барбакка, ыытан кэбиһэн абыраатахтара.
Кырыстаах ойуун аатырбыт хос-хос эһээм Нам сиригэр тиийэн, төбөтүн оройунан көмүллэн,хара буору уоба сытар эбит буоллаҕа дуу. Көрүүлэниим чахчы буоллаҕына оннугар тиийэр. Баппаҕай ойуун ыйбыт алааһын Ньукулайдаах өр гыммакка булбуттара. Балаҕан туруоран,бур-бур буруо таһааран хам-бааччы олоруохха бэртээхэй алаас. Уһун күөлгэ хаһан даҕаны бараныа суох балыга элбэҕэ, мундуттан саҥалаан, сүүнэ улахан көмүс хатырыктаах соботугар диэри. Хара тыатыгар куобах тобус-толору, дьол тосхойдоҕуна тайах да сырыылыыыр сирэ. Онтон күһүнүн балаҕан айаҕыттан саҥалаан отон арааһа, тэллэй дэлэйэ,быһатын эттэххэ киһи хоргуйан быстыбат дойдутугар тиксибиттэрэ. Ол эрээри Ньукулай баайын халыҥатар санаата биир кэм тэһэ кэйэн сордообута. Баай-дуол олоххо үөрэнэн хаалбыт киһи аанньа буолуо дуо,хайаан даҕаны баайдык-тоттук олордоҕуна сатанар буоллаҕа. Ону таһынан сиэн кыыһа сааһын ситэн,ойох тахсар кэмэ тиийэн кэллэҕэ. Бу курдук дьонтон-сэргэттэн тэйэн,хам-бааччы олорбуттара иккис сылыгар Ньукулай санаата батарбакка, билэ-көрө, дьон-сэргэ санаатын үөрэтэ диэн ааттаан, оройуон диэки аттаммыта. Онно оргууй наллаан чуҥнаан көрбүтэ-истибитэ саҥа былааһы утарар дьон син балай эмэ баар эбит. Дьэ кини киһи кинилэри кытары сэлэһэн булсубута, тыл-тылларыгар киирсибиттэрэ. Ойох тахсар саастаах кэрэчээн сиэн кыыстааҕын эмиэ кэпсээбитэ. Ньукулай оройуоҥҥа кэлэрэ-барара сыыйа-баайы үксээбитэ. Кэллэҕин аайы кистээн, сири-буору аннынан сураһан сылгы,ынах атыылаһар буолбута.Биллэн туран дойдутуттан соһон-сыһан аҕалбыт көмүһүнэн төлөһөрө. Ити курдук аа-дьуо баайа халыҥаан,олоҕо тупсан эрдэҕинэ, биир күн Баппаҕай ойууну тыыннаахтыы көмпүт хамыһаар кини балаҕанын чуо булан этэрээттээх тиийэн кэллэ. Балаҕан халҕанын тоҥсуйбахтаабыта буолан баран,арыйа баттаан,көтөн түстэ. -Дьиэлээхтэр дорооболоруҥ,-сытыы хараҕынан тугу эрэ көрдүүрдүү балаҕан иһин эргиччи көрдө. Ньукулай бу киһини көрөөт алдьархай тахсаары гыммытын тута сэрэйдэ. -Үтүө сарсыарда,-диэн нэһиилэ ыган таһаарда. -Бу дойдуну булуоххуттан ыла сураҕа көмүһүнэн уҥа-хаҥас ыһыахтана сылдьар үһүгүн. -Хайалара ити курдук кэпсээн дуллураҥныырый? -Оройуон бүтүннүү эн тускунан кэпсиир, дьон-сэргэ сымыйалаабата ини. Утарылаһар туһата суоҕун Ньукулай өйдөөтө: -Мин саҥа былааһы утарбаппын. Ордук хоһуу сылгым да,ынаҕым да суох, барыта былаас көҥүллүүр ахсаанынан эрэ баар. Онтон ити көмүс миэхэ аҕабыттан тиксибитэ,аҕабар эһээбиттэн,эһээбэр.., -Ол аата саас-үйэ тухары дьон көлөһүнүн тоҕон, байан-тайан олордоххут! -Хамначчыттарбытын бэркэ диэн хамнастыыр идэлээх этибит. Хамыһаар эргийэ биэрдэ даҕаны Ньукулайы сирэйгэ сырбатан саайда, бу иннибэр кырдьаҕас киһи олорор диэн кымаардаан да кыһаллыбата. -Эн хамнастаабытыҥ диэхтээн, баайтан кэлбит хамнас чиэрбэ кэриэтэ. -Ким даҕаны итинник диэбэтэҕэ. -Ханна баарый кистээн сытыарар көмүһүҥ?! -Көмүспүнэн ынах,сылгы атыыласпытым, барыта бүппүтэ. -Сымыйалаама,булуом даҕаны, ыты ыт курдук ытан кэбиһиэм,-хамыһаар бистэлиэтин ойутан таһааран, Ньукулай чэчэгэйин тирээтэ. Кутталыттан эбээтин ыга кууһан олорбут Алаапыйа ытаан тоҕо барда. Хамыһаар онно олох кыһаммата, халҕан аанын сэгэтэн, илдьэ кэлбит этэрээтигэр балаҕаны биир гына, чугас эркин ойууру чинчийэн көмүһү көрдүүллэригэр соруйда. Дьон аттарыттан ыстанан түһэн, балаҕаны иһинэн-таһынан, чугас тыаны эргийэ көтөн көрдөөбүтүнэн бардылар. Балай эмэ өр көрдөөтүлэр, онтон биир нуучча сирэйэ, халҕаны арыйа баттаан,мэлбэс гынна: -Нашли,-диэтэ. Хамыһаар дьиэлээхтэри бука барыларын батыһыннаран таһырдьа таҕыста: -Вот этэ находка,-диэн нууччалаата. -Дьэ буллаххыт да дэлбэрийиҥ,-Ньукулай синигэр киирэн, утарылаһыахча буолла. Онтон эмискэ көһүппэтэх өттүлэриттэн Алаапыйа айдааран туран кэллэ: -Сирэҕэстэр,ыттар тоҕо биһигини эккирэтэ сылдьан сорбутун сордуугут! Биһиги кимиэхэ даҕаны мэһэйдээбэккэ хам-бааччы олоробут буолбат дуо! Диэтэ да биир эдэркээн уол уолугар түстэ. Уол кыыһы хайдах гыныан билбэккэ,күлэн ымаҥныы-ымаҥныы кэннинэн тэйбэхтээтэ. Онтон биир уол тэһэ кэйдэрбиттии ыстанан кэлэн,саатын луоһунан Алаапыйаны кэтэххэ сырбатта. Алаапыйа тута өйүн сүтэрэн, умса баран түстэ.Эбээтэ эмээхсин сиэнин үрдүгэр ытыы-ытыы саба түстэ,ол олорон кэтэҕиттэн имэрийбэхтиир. Байыастар аны кыыһы охсубут уолга саба түстүлэр,мөҕөллөр-этэллэр, сиилииллэр. Уол бэриммэт быыстала суох тыл бырахсан,айаҕа били-мээнэ кытарар. Ньукулай обургу хараҕа сиргэ тэлгэнэн сытар көмүһүттэн арахпат. Үгүс көмүһэ Баппаҕай ойуун дүҥүрүн үрдүгэр буолан биэрдэ. Бу сордоох тугу толкуйдаабыта эбитэ буолла,аймалҕаны туһанан дүҥүрү харбаан ылла уонна сааһыгар холооно суох түргэнник күөл диэки тэбиннэ. Ойдоҕун аайы көмүһэ уҥу-хаҥас ыһыллан баранаахтаата,ол эрээри сүүрэрин отой кубулуппат. Күөлгэ ыкса чугаһаабытын кэннэ саа тыаһа өрө хабылла түстэ, Ньукулай тиһэх күүһүнэн дүҥүрү күөл диэки кыыратан кэбистэ. Көмүстэн босхоломмут дүҥүр салгыны хайа сотон, өрө көтөн таҕыста уонна чуо күөлгэ тиийэн "лап" гына түстэ. Аттаах этэрээт саба сырсан кэлиэр диэри, Ньукулай барахсан өрө көтөн тахсыбыт дүҥүрү одуулуу турда, онтон байаатаҥныы-байааттаҥныы аттаах дьон диэки эргийдэ уонна ымайбытынан көбүс-көнөтүк охтон хаалла. Ити кэмҥэ Алаапыйа өйүгэр киирэн уһугунна,ол эрээри кыыһырбыта ааспатах, биир байыас саатын маска өйөннөрөн,ордон хаалбыт көмүһү суулуу олорор эбит. Алаапыйа аҕыйахта ыстанан кэлэн, сааны харбаан ылла уонна киэбирэ хаама сылдьар хамыһаары кыҥаан эрдэҕинэ, биирдэрэ көрө биэрэн,хаптас гына түстэ да ,сүр түргэнник бистэлиэтин ойутан таһааран,хаста эмэ ытан субурутта. Алаапыйа эрэйдээх саата салгыҥҥа эстэн хаалаахтаата,иннин диэки хааман иһэн умса баран түстэ. Ону көрөн эбээтэ олох буорайда,оҕотун хайдах гыныан, хантан кууһуон билбэккэ, ытыы-ытыы эргийэ хаама сырытта. Хамыһаар онно кыһаммат,хата хайдах курдук бэргэнник ыппытыттан киэҥ туттубуттуу, атын үрдүгэр ыстанан, миинэ оҕуста: -Поехали,-диэн дьаһайда. -А с трупами что делать? -Утопите в озере. -А бабушку? -Застрелите,кому она теперь нужна,-хамыһаар көмүс кыбыныылаах, сорох дьонунаан айан суолун диэки көтүттүлэр. Хаалбыт дьон ыһыллыбыт көмүһү көрдөөтүлэр, өлүктэри тимирдэргэ бэлэмнээтилэр.Сотору эмиэ саа тыаһа өрө хабылла түстэ эмээхсин эрэйдээх тыын былдьаһан таттарбахтаан баран,өлөн налыйан хаалла.Этиллибитин курдук өлүктэри күөлгэ илдьэн быраҕаттаан кэбистилэр, эбиитин туруорбах балаҕаны өрө бараннар эбитэ дуу, дьээбэҕэ эбитэ дуу, уоттаан кэбистилэр. Ол кэннэ ынахтарын,сылгыларын һайдаан, оройуон диэки айаннаатылар. Айаннаан иһэн эдэркээн уолаттар күлсэ-үөрэ кэпсэтэллэр. Кэннилэригэр, бу алааска, дьон олорон ааспыт сибикитэ хаалбатаҕа буолуо дии санаахтаан эрдэхтэрэ.
Хотой кыыл буолан, кэми-кэрдииһи нөҥүөлээн элиэтии сылдьыбыт бэйэкэм, икки аҥыы адаарыйбыт сүүнэ улахан кынаттарбын ыһыктынан, сүр үрдүктэн аллараа диэки курулаатым,кулгаахпар биир кэм тыал иһиирэр,икки хараҕым уу баламах буолан тугу даҕаны көрбөппүн. Оннук бэйэм кэммэр соҕотохто баар буола түстүм да,төбөм оройунан Төгүрүк күөлгэ "чол" гына умсан хааллым. Тула өттүбэр уу холоруктуу ытыланна, мин киһи киэбин кэтэн ууттан оронон таҕыстым,харса суох салгыны эҕирийбэхтээн өрүтэ тыыммахтаатым. Ол эрээри хаҥас илиибэр туппут төгүрүк дүҥүрбүн харса суох кырбыырбын отой кубулуппаппын. Бэйэм даҕаны өйдөөбөппүнэн тугу эрэ дуллуруҥнаан биир кэм кыыран ботугуруубун да ботугуруубун.Тугу туойарбын билбит суох. Арай кытылга турар Ньукулай оҕонньор абаккаран: -Бу иэдээни! Диэн саҥа аллайда. Эмээхсинэ эрэйдээх: -Ол иһин даҕаны кэмҥэ-кэрдиискэ бутуллан, муна сылдьар эбиппит дии,-диэн хос сыҥаах буолла. Арай Алаапыйа саҥарбат, кини ойох тахсан,оҕо төрөтө илигинэ, эдэркээн сылдьан быдан былыр үйэҕэ өлөн хаалаахтаабытын итэҕэйиэн олох баҕарбата өтө көстөр. Эһээлээх эбээтин көхсүлэрин күлүгэр төбөтүн умса туттан, саһан тураахтыыр. Мин түүл икки, илэ икки ардынан кыыран,көрүүлэнэн бүтэн, дэлби тоҥон титирии-титирии кытылы былдьастым. Ол иһэн көрбүтүм уҥа илиибэр олох да киһи харытын уҥуоҕун тута сылдьар эбиппин. Бу сордоох былаайах оннугар хары уҥуоҕунан дүҥүрбүн тоҥсуйаахтаабыппын дуу. -Дьэ тукаам, алгыс тылгын этэн, аналлаах суолбутун ыйдаргын. Бу Орто дойдуга үйэ-саас тухары муна сылдьарбыт сүрэ бэрт, өлбүт киһи оннун булара ордук,- Ньукулай оҕонньор өлбүтэ быдаҥнаабытын билигин да итэҕэйбэт курдук тутуннар-хабыннар даҕаны суолтатыгар көрдөстө. Мин уу-сахалыы алгыс тылын хантан кэлэн билиэм баарай. Ол да буоллар тэҥнэһиэм дуо, тута сылдьар дүҥүрбүн маска өйөннөрө уурдум уонна умуллубута быдаҥнаабыт уоппун саҥаттан оттон, аныгылыы тыллары үгүстүк кыбытан, сымыйа-кырдьык икки ардынан алгыспын этэн, алҕаабытынан бардым. Ол быыһыгар дьэрэкээн бэйэлээх ойуулаах,суруктаах-бичиктээх ханньаахпынан уоппун аһатабын. Түҥ былыргы сахалар алгыс тылын хайдах этэллэрин, Үрүҥ айыыттан көрдөһөллөрүн аныгы үйэ дьоно билбэппит сыттаҕа. Ол эрээри, ханньаахпын таҥнары туттаҕым аайы уотум үөрбүттүү өрө күөдьүйэн тахсар. "Өссө биирдэ куттаргын баҕа санааҕын бүтүннүү толоруом", дииргэ дылы. Тылым-өһүм баранна, этэрим бүттэ,мантан ордук тугу алҕаан "туойуохпун" билбэппин. Ыга симпит харахпын арыйа биэрбитим, оҕонньордоох эмээхсин барахсаттар эдэр дьоннуу сиэттиспитинэн, салгыны кытта салгын буолан суураллан, күөх халлаан диэки унаара турдулар. "Махтал эйиэхэ, Микиитэ-ээ",-дэһэргэ дылылар. Сотору кэминэн киһи хараҕар көстүбэт гына симэлийэн, сүтэн хааллылар. Сааскы күн сандааран тахсан, бу түүн буолбут аймалҕаны бүтүннүү мэлдьэһэн кэбистэ. Эмиэ саҥа күн үүннэ. МИн халлаан диэки хантаһан оҕонньордоох эмээхсини одуулаһа сатыы турдум, суох кинилэр отой көстүбэттэр. Арааһа аналлаах сирдэрин буллахтара. -Микиитэ буолбатах эбиккин дуу,- аттыбар кыыс саҥарбытыгар соһуйан өрө ходьох гынан ыллым. -Онтон эн.., эн тоҕо хаалан хааллыҥ, тоҕо эһээлээх-эбээҕиҥ кытта барсыбатыҥ? -Мин Микиитэбин кэтэһиэм, кини эмиэ кэми-кэрдииһи бутуйан, бу Орто дойдуга муна сылдьаахтыыра буолуо. -Микиитэ мантан быдан ыраах сиргэ өлөөхтөөбүтэ дии, ким эһигини тиксиһиннэртиэй? -Чэ буоллун, миэхэ билигин кэм суолтата суох,төһө баҕарар кэтэһиэм. Хаһан эмэ,ким эмэ тиксиһиннэрэр ини. -Оччоҕуна бу алааска соҕотоҕун хаалаҕыҥ дуо? -Оннугар тиийэр. -Чуҥкуйуоҥ суоҕа дуо? -Суох. Эн аатыҥ ким диэний? -Айаал. -Дьикти ааттаах эбиккиҥ,эһиги үйэҕитигэр үөскээбит аат быһыылаах. -Оннук. -Айаал,сирэйгин алҕас таһыйбыппын, буруйдаабат инигин? -Суох, буруйдаабаппын. Алаапыйа иэдэспин бэрт сымнаҕастык имэрийэн ылла уонна оргууй наллаан күөл диэки хаамта.Кытылга тиийэн тохтоото уонна мин диэки хайыһан, ис киирбэхтик мичээрдээтэ. Онтон күөлгэ киирэн сүтэн хаалла. Мин кинини кэнниттэн көрөн туран, олуһун диэн аһынным. Эдэркээн бэйэлээх кэрэчээн кыыс олох кэрэтин билбэккэ, оҕо төрөтөн бүөбэйдээбэккэ ыттыы өлөн хаалаахтаатаҕа. Уһун сыллар тухары уҥуоҕа хараллыбакка бу алааска үөр буолан сырыттаҕа. Кини атын дьон хараҕар көстөрө эбитэ дуу,миэхэ эрэ көһүннэҕэ дуу? Ону мин билбэппин. Хайдаҕын да иһин киниттэн куттанар, "алаас абааһыта" диэн ааты иҥэрэр сатаммат. Мин удаҕан сиэнэ,эбиитин аһаҕас эттээх буоламмын муна-тэнэ сылдьар өлбүттэрэ быдаҥнаабыт дьону үгүстүк көрөбүн. Өлбүт дьон араастаах,куһаҕан санаалаах-кыдьыктаах анараа дойдуга тиксибэтэх балай эмэ элбэх,ол эрээри үксэ үтүө санаалаах буолар. Мин хары уҥуоҕун туппутунан Ньукулайдаах балаҕаннарын диэки хаамтым. Биллэн турар балаҕан турбут сибикитэ да суох. Ол эрээри чопчу билэбин,бу манна туруорбах балаҕан хаһан эрэ саха ыалыгар дурда- хахха буолан турбутун. Сөптөөх соҕус мас булан, балаҕан турбут оннугар ииҥ хастым уонна хары уҥуоҕун кистээтим. Ким уҥуоҕа эбитин билбэппин. Күөлбэр төннөн кэлэн,уоппун күөдьүттүм. Таҥаһым өссө даҕаны ыбыс-ынчаҕай, дэлби тоҥмуппун,сылайбыппын дьэ биллим. Ол эрээри сыгынньахтанан,таҥаспын куурдуохпун сүрэҕэлдьээн, уотум иннигэр чөкөллөн иттэ олордум. Оннук олорбутунан сылаам киирэн, утуйан хааллым.
-Хайа доҕоор туох буоллуҥ? Саҕабыттан киһи тардыалаабытыгар уһуктан кэллим. Андрей кэлэн турар эбит, сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх,бэркэ диэн ыксаабыт,долгуйбут көрүҥнээх.Мин өссө да уубар аҥаарыйа олорон: -Ээ, барыта үчүгэй,-эрэ диэн хардардым. -Тоҕо түлүпүөҥҥүн ылбаккыный? Аны оһолго түбэспитэ дуу, диэн ыксаатым,куттанным аҕай. -Кырдьык даҕаны,түлүпүөнүм ханна сүттэ? Ойон туран, түлүпүөммүн көрдөөн түбүгүрдүм. Ханна бараахтыай, мүлчү туппут сирбэр, дурдам аттыгар сытарын булан ыллым. Туох да буолбатах, Андрей хаста эмэ эрийбит, ол тухары истибэтэхпин. Дьэ, кытаанахтык утуйа охсон ылбыппын. -Пахай доҕо-оор, ханньааххын барытын иһэн кэбиспиккин дуу,- Андрей кураанах бытыылканы булан ылан, таҥнары тутан сахсыйбахтаата. Мин саҥарбатым,туох диэн куотунуохпун сатаан тобулбатым. -Ээ, бу киһи олох дьаабыламмыккын дии, таҥаһа ыбыс-ынчаҕай. Куйааһырҕаан түүннэри сөтүөлээбит дуу, хайа үөдэн дуу? Эмиэ саҥарбаппын, буруйдаах оҕо курдук аны мөҕүллэн эрэбин. -Чэ, хомунан бара охсуохха, аны ыалдьан ыҥаалыы сытарын итэҕэс,-Андрей өссө даҕаны долгуйбута,куттаммыта ааһа илик. Сып-сап туттан-хаптан хомуммутунан барда. Ол быыһыгар миигин мөҕөн тугу эрэ ботугуруур. Мин мээнэ олоруохтааҕар көмөлөһөн, илии-атах эрэ буола сырыттым. -Айаал, бу туох сатана малай,хантан булан аҕаллыҥ? Маска өйөнөн турар дүҥүрү чуо ыйан туран, хаһыытаан тэһэ барда уонна мин хардарыам икки ардыгар харбаан ылла да, күөл диэки кыыратан кэбистэ. Дүҥүр салгыны хайа сотон, өрө күөрэйэн тахсан, күөл хаба ортотугар "чол" гына түстэ уонна оннун булбуттуу, сыыйа-баайы тимирэн хаалла. -Оо.., ити..,-эрэ диэн хааллым. -Туох "оо-то-ээ-тэ" баарый? Бара охсуохха, сирэйин-хараҕын буорайбыт, ыалдьаары гыммыккын быһыылаах дуу, өлөттөрөн дьаабыламмыккын дуу? Эмиэ даҕаны арыгы сыта айаххыттан кэлбэт курдук,-киһим миигин олох саҥардыбат, бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэр курдук. Итинник айаннаан Андрей дьиэтигэр тиийэн кэллибит. Айанныырбыт тухары киһим айаҕа хам буолбакка миигин мөхтө да мөхтө. Ойоҕо дьиэтиттэн тахсан,үгэһинэн боруота аанын аһан-сабан биэрдэ. -Эмээхсин, ыалдьыппыт буорайбыт, тэһийбэккэ түүннэри сөтүөлээбит, кураанах таҥаста биэрэ тарт, итии чэйдэ иһэрт. Мин баанньыгы отто сүүрдүм,- Андрей кэм да дьаһайымсыйда. -Ээ,барыта бэлэм,-ойоҕо отой холку. Кураанах таҥаһы таҥнан, итии чэй иһэ-иһэ бэлэм аһы аһыы олордохпуна, Андрей ойоҕо кэлэн,утары олордо уонна: -Тугу көрөн бу айылаах ууга түстүҥ? Кини күлүү-элэк гыммат, боччумнаахтык ыйытара харахтарыгар көстөр. Мин туох диэн хоруйдуохпун билбэккэ мунааҕымсыйдым,онтон быһа-бааччы: -Суох,-эрэ диэтим. -Ээ, ити сэмээр ыйыттым,-саҥата суох олорбохтуу түһэн баран,-көр эрэ, урут эдэрбэр уолбун хат сылдьан, биир күһүн ити алааска отоннообуппут. Ол сылдьан Төгүрүк күөлгэ уу баһа киирбитим,дьэ доҕо-оор, онно көрбүтүм кытылга үс күлүк кэккэлэһэн турар этэ. Тоҕо эрэ оҕонньордоох эмээхсин уонна эдэркээн кыыс дии санаабытым. Уубун баспакка куттанан, төптөрү куоппутум. -Хат дьахтар ону-маны, буолары-буолбаты көрөрө үксүүр дииллэр ээ. Суох, мин тугу даҕаны көрбөтөҕүм,-диэн кыккыраччы мэлдьэһэн кэбистим. -Баҕар оннук буолуо. Алҕас мэлдьэстим дуу, санаабын чэпчэтэ таарыйа тугу көрбүппүн кэпсиирим дуу, бу аҕыйах саҥалаах дьахтар син-биир кимиэхэ даҕаны ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбата сэрэйиллэр, диэн саараҥныы олордохпуна Андрей киирэн кэллэ: -Чэ Айаал, тахсан баанньыктаныахха,барыта бэлэм,-диэн аралдьытан кэбистэ. Баанньыктанан суунан-тараанан арый сэргэхсийдим, уҥуохпар диэри курдаттыы тоҥмутум ааста. Киэһэ утуйаары сытан Андрей: -Сарсын эрдэ туран куораттыыбын, барсар инигин, күөлгэр сөтүөлүү хаалаҕыҥ дуу? Диэн күлүү-элэк гынна. -Барсан,барсан, тугу гына хаалыахпыный? -Оо,дьэ кусчут бөҕөҕүн дии,таҥастаах-байдаах түүннэри сөтүөлээҥҥин. Эмиэ да бытыылкан кураанах,эмиэ да айаххыттан арыгы сыта кэлбэт,- Андрей күлэн саһыгыратта. -Андрей, эн хос-хос эһээн бу дойдуга олохсуйбута диэн кырдьык этэллэр дуо? Диэн соруйан эрийэ-буруйа ыйытааппын кытары, Андрей ойоҕо сыттыгыттан төбөтүн өҥдөтөн,кулгааҕын чөрөтөн сэҥээрэ түспүтэ билиннэ. -Дьэ ити кырдьык, хос-хос эһээм, Ньукулай оҕонньор, гражданскай сэрии саҥаланыаҕыттан бүтүөҕэр диэри кыһыл этэрээккэ хамандыырынан сылдьыбыт үһү. Саха сирин бүтүннүү кэрийэн Сэбиэскэй былааһы олохтоспут, ити куораттан кэлэн иһэн көрбүт Никольскай диэн ааттаах дэриэбинэҕэ бандьыыттар тобохторун кыргыспыт. Онно сэриини түмүктээбит. Сэрии кэнниттэн ити кустаабыт алааскар сир ылан, эйэ дэмнээхтик олорон, олоҕун моҥообут үһү..,-диэн киһим олох даҕаны халлааны таһыйан барда. Уум быыһынан иһиттэхпинэ уотугар-хаарыгар киирэн, уһуннук да уһуннук сиһилии кэпсээтэ быһыылаах. Хос эһээтэ тэҥҥэ сылдьан сэриилэспитин, харса суох бандьыыттары кыдыйсыбытын хаста эмэ ахтан ааста. Мин көрүүлэммитим кырдьыга эбитэ дуу, кини киһи кэпсээнэ кырдьыга эбитэ дуу, ону быһаарар кыаҕым суох.
Сарсыарда эрдэ туран, куорат диэки айаннаан иһэбит. Хамаҕатта диэн уһун синньигэс дэриэбинэни ааһааппытын кытары Никольскай тиийэн кэллэ. Бу манна гражданскай сэрии түмүктэммитэ диэн устуоруйа туоһулуур. Кыһыллар бандьыыттары кытыйбыттара эбитэ дуу, олохтоох сахалары кытыйбыттара эбитэ дуу. Баҕар саа саадах тутуох көрүҥнээх эрчимнээх эр дьону аҥар кырыы кытыйбыттара буолуо. Ону билигин хайдах даҕаны быһаарбаккын. Мин көрүүлэниим оруннаах эбит буоллаҕына, туох да буруйа суох Микиитэ барахсан дууһата аналлаах сиригэр тиийбэккэ бу эркин муна-тэнэ сырыттаҕа. Никольскай былыргытын курдук буолбатах,лаппа уларыйбыт, улааппыт-кэҥээбит. Мин хос-хос эһээм дэриэбинэ хоту уһугар көмүллүбүтэ, билигин онно дьиэ-уот дэлэйбит. Баҕар эн күрүлүүр күнүс тымтыктанан да туран көрдөө хайдах да кини уҥуоҕун булбаккын. Баҕар ити дьиэ анныгар, баҕар оол-ол дьиэ тиэргэнигэр, баҕар уулусса хаба ортотугар сытара буолуо, ону ким билиэ баарай. Ол эрээри Баппаҕай кырдьаҕас мээнэҕэ төбөтүн оройунан туруору ииҥҥэ тыыннаахтыы көмтөрбөтөҕө буолуо ээ диэн сэрэйэбин. Кини киһи бүгүн хара буору уобан сыттар, түллэҥниир кэмэ хаһан эрэ тиийэн кэлэрэ дуу? Бүттэ

Сарсыарда эрдэ туран, куорат диэки айаннаан иһэбит. Хамаҕатта диэн уһун синньигэс дэриэбинэни ааһааппытын кытары Никольскай тиийэн кэллэ. Бу манна гражданскай сэрии түмүктэммитэ диэн устуоруйа туоһулуур. Кыһыллар бандьыыттары кытыйбыттара эбитэ дуу, олохтоох сахалары кытыйбыттара эбитэ дуу. Баҕар саа саадах тутуох көрүҥнээх эрчимнээх эр дьону аҥар кырыы кытыйбыттара буолуо. Ону билигин хайдах даҕаны быһаарбаккын. Мин көрүүлэниим оруннаах эбит буоллаҕына, туох да буруйа суох Микиитэ барахсан дууһата аналлаах сиригэр тиийбэккэ бу эркин муна-тэнэ сырыттаҕа. Никольскай былыргытын курдук буолбатах,лаппа уларыйбыт, улааппыт-кэҥээбит. Мин хос-хос эһээм дэриэбинэ хоту уһугар көмүллүбүтэ, билигин онно дьиэ-уот дэлэйбит. Баҕар эн күрүлүүр күнүс тымтыктанан да туран көрдөө хайдах да кини уҥуоҕун булбаккын. Баҕар ити дьиэ анныгар, баҕар оол-ол дьиэ тиэргэнигэр, баҕар уулусса хаба ортотугар сытара буолуо, ону ким билиэ баарай. Ол эрээри Баппаҕай кырдьаҕас мээнэҕэ төбөтүн оройунан туруору ииҥҥэ тыыннаахтыы көмтөрбөтөҕө буолуо ээ диэн сэрэйэбин. Кини киһи бүгүн хара буору уобан сыттар, түллэҥниир кэмэ хаһан эрэ тиийэн кэлэрэ дуу?
Бүттэ