Кэпсээ
Войти Регистрация

Чугдаара кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээннэр / Чугдаара кэпсээннэрэ

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:12
1k 12

Содержание

Көссүү таптала

Саас барахсан сандаара сырдаан, үүммүт дьылга туох эрэ кистэлэҥи, сырдыгы эрэннэрбиттии тиийэн кэллэ. Күн чаҕылыччы тыган, хаары уулларар күннэрэ. Куоракка номнуо сир харааран ырааппыт, оттон тыа сиригэр нэлэмэн алаастар өссө даҕаны кылбаһан сыталлар.

  • Хаарыаннаахай өбүгэм - алааһа, миигин кэтэспиттии ичиитэхсийэн турар... Манна өссө даҕаны хаар ууллара ыраах курдукка дылы, тулабыт барыта сандааран олорор дии! – диэн орто сааһын ааспыт, син сэнэх көрүҥнээх, үрдүк уҥуохтаах эр киһи иннигэр баар алааһы одуулуу турда.
  • Дыа, одуулуу туруоҥ да?! Бириэмэ ыраатта, бара охсуохха! – хаары кытта тэҥҥэ силбэһиэх курдук маҥан өҥнөөх, сабыс саҥа джип массыынаттан сырдык баттахтаах дьахтар түннүгү арыйан үөгүлээтэ.
  • Бу дьахтар киһини сүгүн даҕаны дойдум биир кэрэ көстүүтүн одуулаттарбата... ыксаа да ыксаа биһиги наар...
  • Оннук буолбакка! Бириэмэ да ыраатта, сыл ахсын буолар саас туох даҕаны уратыта суох көстүүтүн одуулуу тур итиннэ! Оттон биһиги тиийиэхтээх сирбитигэр тиийэ охсон, ылыахтаахпытын ылан, кэпсэтэрбитин кэпсэтэн баран төттөрү бара охсуо этибит буоллаҕа... – дьахтар иннин биэрэр санаата суох.
  • Чэ, сөп буолуо... саҥарыма...
  • Бэйэҥ саҥарыма... Ити курдук өйдөһүү тахсыбата. Эр киһи уонна дьахтар салгыы улаханнык саҥата-иҥэтэ суох айаннаатылар.  Мөккүөр кэнниттэн чуумпу үөдүйдэ... Эр киһи – Омоллоон диэн ааттаах, саас ортотун ааспыт, Дьокуускай куоракка хас даҕаны эрэстэрээннээх, элбэх үлэһиттэрдээх, улахан тойон киһи. Аттыгар олорор дьахтар – саас ортотун ааспыт, сырдык сэбэрэлээх, бэрт мааны көстүүлээх ойоҕо Ася... Кинилэр эр уонна ойох буолан олорбуттара балачча ыраатта, икки уоллаахтар, биир кыыстаахтар. Дьахтар эриттэн туспа эмиэ биисинэстээх – улахан маҕаһыыннаах. Дьиҥинэн, итиччэ уйгулаах, быйаҥнаах, баай-талым олохтоох даҕаны буоллаллар, кэлиҥҥи кэмҥэ олох бэйэлэрин өйдөспөт буолбуттар. Кыраттан тыл-өс буолан, мөккүһэн, этиһэн тахсаллар. Эр киһи кэлин дьахтар айманыытын истимээри саҥата суох ах баран хаалар.  Оччоҕо Ася үгүһү-киэҥи этэн-тыынан, син санаатын биллэрэн баран, тохтуур. Кинилэр иккиэн Омоллоон төрөөбүт дойдутугар, биир кыра дэриэбинэҕэ айан тутан иһэллэр. Сыаллара-соруктара диэн – эр киһи саҥа арыйбыт эрэстэрээнигэр анаан хас даҕаны сөрүө тэллэҕи олохтоох маастартан ылыы. Оттон дьахтар буоллаҕына, биир иистэнньэҥтэн халадаай ырбаахылары атыылаһыахтаах.

…Самнайбыт бороҥ дьиэлэрдээх, сорох сиринэн ханньары барбыт олбуордардаах дэриэбинэ иһигэр массыына ойутан киирдэ. Сотору соҕус буолаат, кытыы уулуссаҕа турар, балаҕаннаах, хас даҕаны сиэдэрэй, уран тутуулардаах тиэргэн таһыгар тохтоото. -Ыаллар, дорооболоруҥ! – диэбитинэн Омоллоонноох Ася ньыр-бааччы оттуллубут мас дьиэҕэ киирдилэр.

  • Дорооболоруҥ! Киириҥ-ааһыҥ! – диэбитинэн, кырыктыйбыт баттахтаах, сэттэ уонун ааспыт, сэнэх көрүҥнээх Уйбаан оҕонньор кинилэри үөрэ-көтө көрүстэ. «Хайа, таай Уйбаан, хайдах-туох олордугут?» - диэн Омоллоон сылаас чэйи сыпсырыйа олорон, кэпсэтиини саҕалаата. Кэлбит дьон сэлэһэн, итии үүттээх чэйи иһэн, дьиэлээх хаһаайка Маанньа хотун буһарбыт минньигэс аһын аһаан, саалаҕа олордохторуна, тастан илиитигэр бакыат тутуурдаах биир дьахтар киирэн кэллэ... -Хата, былааччыйа аҕалыахтаах кыыспыт бу кэллэ. Кэл, хотуой, киир, аас... – дьиэлээх оҕонньор
  • Дорооболоруҥ... - моонньоҕон курдук чоҕулуччу көрбүт-истибит, элэккэйдик мичээрдээбит, сирэйдиин-харахтыын бэрт сэргэх дьүһүннээх эдэр дьахтар ыалдьыттарыгар иннилэригэр олордо.
  • Билсэн кэбиһиҥ, иистэнньэҥ Маайыс кыыһа – Нарыйа. Кини бэйэтэ эмиэ иистэнэр. Кэлбит дьон кыыһы кытта билсистилэр, онтон аҕалбыт таҥастарын көрдөрбүтүгэр олус сэргээтилэр.
  • Тыый, ийэҥ туйаҕыҥ хатарбыккын эбит. Аныгы ыччат диэх курдук, халадаайдарын олох эриэккэс, ураты көстүүлээхтэр, аны сайын ыһыахха саамай  маанылара эмиэ мин буолар буолбуппун! – диэн Ася мичилийэр.
  • Чахчы, олус талааннаах эбиккин! – Омоллоон кыыс тикпит биир маҥан былааччыйатын көрө туран, Нарыйа тэтэрбит имнэригэр хараҕа хатанна...

Арай, кини өйдөөн-дьүүллээн көрбүтэ - кыыс сиртэн-буортан тэйбит курдук, олус ыраас сэбэрэлээх, киһи киэнэ үтүөтэ, саха киэнэ бастыҥа буолан көһүннэ. Тарбаҕар ураты талааннааҕын ааһан, истиҥ мичээрдээх, хаһан даҕаны кыыһыран-тымтан туруо суох айылаах эйэҕэс көрүҥнээх. Эбиитин, эдэркээн буолан, дьиэ сылааһыттан кыйаханыах санаата кэлбит, сылайбыт сирэйдээх Асяттан быдан тупсаҕай буолан көһүннэ. Бэл, биир таһым үрдүк, сырдык куттаах-сүрдээх курдук... Омоллоон сүрэхтиин-быардыын таттаран, кыыһы кистии көрө туран, кыыс тарбаҕар кыһыл көмүс биһилэхтээҕин бэлиэтээтэ...

  • Оттон бу былааччыйа – аата «Күн Куо» диэн... – Нарыйа Ася иннигэр чахчы күн курдук өҥнөөх сап-саһархай өҥнөөх халадаайы тэлимнэттэ.
  • Олох наһаа астык! Бээ-эрэ, били дьүөгэбэр эрийэ сылдьыам эрэ, - дьахтар куухунаттан төлөпүөнүн ыла барда.
  • Оттон мин, бээ, били сөрүө аҕалыахтаах киһибэр эрийиим, - диэн Уйбаан оҕонньор хоско ааста. Омоллоон Нарыйалыын кылгас бириэмэҕэ иккиэн хаалбыттарыттан иһигэр үөрэ санаата.  Кыыс даҕаны, хайдах эрэ кыбыстан сирэйин умса туттар курдук, эр киһи диэки чараас-чараастык көрөн, мичилийэн ылар.
  • Мин эр киһи даҕаны таҥаһын тигэбин ээ... – диир Нарыйа.
  • Бай, диэ? Оччоҕо миэхэ тигиий, элбэҕи төлүөм... – Омоллоон мичээрдиир.
  • Сөп, бу визиткам, биллээриҥ, - кыыс эр киһиэхэ төлөпүөн нүөмэрэ ыйылла сылдьар кыра каарта курдугу уунар.
  • Махтал... – Омоллоон хайдах эрэ долгуйан ылбытын, сүрэҕэ тэлибирээбитин бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла...

Бу көрсүһүү кэнниттэн хас даҕаны күн ааста... Омоллоон нарын-намчы таһаалаах, эдэркээн Нарыйаны умнубакка сордонно диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо. Эр киһи кэргэннээх эдэр дьахтар олоҕор орооһоро табыллыбат. Хайдах даҕаны буолбутун иһин, кини били урут хаһан эрэ билсэ сылдьыбыт, кэргэнэ суох, эдэркээн көссүүлэригэр майгыннаабат... Хайыахпытый? Хас биирдии киһи бу орто туруу дойдуга үтүө даҕаны, мөкү даҕаны өрүттэрдээх буолан үөскүүр. Ол курдук, биһиги киһибит итэҕэһинэн баай-талым олохтонон баран, аҕыйахта көссүүлэнэ сылдьыбыта буолар. Бастакыта – куоракка биир тэрилтэҕэ буҕаалтырынан үлэлиир бааһынай кыыс этэ. Кинилиин аҕыйахта алтыһаат, интэриэһин сүтэрбит курдук буолан хаалбыта. Анарааҥҥыта, биллэн туран, арахсалларыгар кыыһыран, сымаҕаһын быһа ытыран баран, ааны хайыта быраҕан тахсыбыта. Иккиһэ -  бэйэтиттэн аҕыйах сыл балыс, учуонай үөрэхтээх кыыс этэ. Тыйыс соҕус майгылаах даҕаны буоллар, уурбут-туппут курдук кыталыктыы таһаатынан, көнө, дьылыгыр уҥуоҕунан биһиги киһибитин абылаабыта. Кинини кытта сыһыан олохтоон истэҕинэ, анарааҥҥыта «уостан хаалбыта». Өйдөөҕө бэрт буолан, Омоллоон киниэхэ истиҥэ суох сыһыанын сэрэйэн, бэйэтэ тэйиппитэ. Оттон, хомойуох иһин, үһүс көссүүтүн кытта массыынанан хатааһылыы сылдьарын кэргэнэ Ася тутан ылбыта. Дьахтар, маныаха өссө кыыһыран-тымтан, арахсыах аатыран баран, үгүс үлэтигэр аралдьыйан, кэнникинэн умнар аакка барбыта. Билбиккит курдук, Омоллоон дьахтартан дьахтарга көһө сылдьыах курдук, сүөргү айылгылаах. Ол эрээри, ис дьиҥин сыныйан көрүөх...

Эр киһи Асятынаан сүүрбэччэ саастаах сылдьан билсибитэ, иккиэн биир үөрэххэ үөрэммиттэрэ. Оччолорго кыраттан күлэ-үөрэ сылдьар, сахалыы номоҕон дьүһүннээх, намчы таһаалаах, үгүс саҥалаах-иҥэлээх кыысчааны Омоллоон сүрэҕэр киллэрбитэ. Таптал кутаата күөдьүйбүтэ, биир сылынан сүбэлэрин холбоон ыал буолбуттара. Эдэр ыал маҥнай утаа харчы өттүнэн тиийиммэт этилэр. Дьонун көмөлөрүнэн мас дьиэҕэ кыбартыыра ылбыттара, утуу-субуу икки уолламмыттара... Кэлин, Омоллоон хараҕын быһа симэн баран, кирэдьиит ылбыта уонна куорат кытыытын диэки кафе үлэлэтэн саҕалаабыта. Онтон сыыйа тупсан, сайдан, хас даҕаны сиргэ туочукалар арылланнар, билигиҥҥи кэмҥэ таһымын уларытан, үс эрэстэрээҥҥэ кубулуппута. Ася буоллаҕына, Омоллоону кытта тилэх баттаһан, дьонун көмөтүнэн уонна сүбэтинэн, Кытайтан табаар атыылаан саҕалаабыта. Онтуката кэлин тупсан, улаатан, биир улахан маҕаһыын буолбута...

Кэлиҥҥи сылларга туох буулаабыта эбитэ буоллар, баай-талым олоххо дьэ сыһыан тупсан, барыта сыа-сым курдук барыаҕын, кэргэннии дьоммут сыһыаннара тосту уларыйан барбыта. Иккиэн киэһэ дьиэлэригэр хойутууллара, сылайан-элэйэн кэлбит дьон оҕолоругар нэһиилэ болҕомтолорун ууран, үрдүнэн-аннынан алтыһан баран, утуйар аакка бараллара. Өрөбүллэргэ үрдэ суох тэрээһин, урбаан эйгэтин бүппэт түбүктэрэ буулууллара. Омоллоон киэһэ хойукка диэри блокнотугар үгүһү сурунара, элбэҕи сыта-тура толкуйдуура. Оттон Ася сорох күн олох даҕаны дьүөгэлэрин кытта сүтэн хаалара. Ханна эрэ бэйэтин көрүнэр ааттаан эгэлгэ процедураларга, массаас, кэрэ буолуу солуоннарыгар сылдьара... оннук курдук, хас даҕаны сыл барыта хатыланан, кэлин өйдөөбүттэрэ, кэргэнниилэр ааттыын-суоллуун эрэ эрдии-ойохтуу буолан хаалбыттар эбит. Баай буолуу ураты кыһалҕата дьоммутун холбуоҕун оннугар, үгүс мөккүөрү, өйдөспөт буолууну үөдүппүтэ. Баҕар, ол иһин буолуо, Омоллоон сүтэрбит тапталын туораттан көрдөөн, бэйэтигэр аньыыны-хараны оҥостон, үс төгүл көссүүлэнэ сылдьыбыта. Ол эрээри, ити билсиилэр дьиҥнээх тапталга харыс даҕаны чугаһаабат этилэр... онон, сүтэрбити көрдөөһүн эрэ курдук буолан, киһибит дууһатын аймаан эрдэҕэ.

...Оттон бу кэлиҥҥи күннэргэ, күн-түүн түргэнник устан иһэр, бэйэтэ туспа кыһалҕалаах олоҕор Омоллоон туох эрэ кылам сырдыгы, сырдык иэйиини Нарыйаҕа булла. Утуйаары сытан, кыыс били чаҕылхай араҕас өҥнөөх халадаайы кэппитинэн киирэн кэлэрин хараҕар ойуулаан көрөр. Сарсыарда уһуктан баран, түннүк нөҥүө кыламныыр күн сырдыгын сардаҥатын кытта кини киирэн кэлбитин курдук саныыр буолла... «Арба даҕаны, таҥас тиктэриэх буолбутум, саатарын бассаабынан биллэн, таҥас сакаастаабыта буолан кэпсэтэн көрүүм», - дии санаата Омоллоон уонна Нарыйа биэрбит визвиткатыгар баар нүөмэригэр суруйда. Сотору буолаат, кыыс хоруйдаата: «Омоллоон Викторович, тигиэхпин син буоллаҕа. Ханнык матырыйаалтан, хайдах өҥнөөҕү тиктэриэххитин саныыгыт? Арба, размергытын биэриэххитин наада»... Онуоха, киһибит хоруйу тутаат, сири билбэт буолуор диэри үөрдэ уонна сарсыныгар, маҥан джип массыынатын гаражтан таһаараат, бэйэтин төрөөбүт дойдутун диэки салайбытын бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла...


Икки чаас биллибэккэ ааста. Саас чалбах тахсан, били үнүр маҥан хаарынан нэлэйэн көстүбүт алааһа, бороҥ халдьаайылаах, онон-манан хараарбыт кырыстаах көрүстэ. Сотору кэминэн, номнуо хаара суох, эгэлгэ өҥнөөх кырыыһалардаах дьиэлэр көһүннүлэр. Күн, бэл, тоҥон турбут дьиэлэр тас кырыаларын ириэрэн, тутуулар бары хайдах эрэ быдан чаҕылхай, сибиэһэй дьүһүннээх буолбукка дылылар. Оттон, Нарыйа үлэлиир дьиэтэ, икки этээстээх, дэриэбинэҕэ бастыҥ тутуу буолан, мин  манна тойоммун диирдии дьэндэһийэн турар кулууп көһүннэ. Кыыс: «Үлэбэр кэлэ сылдьан размергытын биэриэххитин сөп», - диэбиттээҕэ. Онон, Омоллоон култуура дьиэтин иннигэр тохтуу биэрдэ. Үгүс, эриэккэс быыстапкалардаах, хараҕы саататар дьэрэкээн өҥнөөх лаампалардаах сүүнэ дьиэҕэ киирдэ. Бу кэмҥэ, утары ойоҕоско турар кирилиэскэ хобулук тыаһа иһиллээтин, оргууй аҕай, куба курдук унаалдьыйан, Нарыйа утары хааман кэллэ.

  • Дорообо, Омоллоон Викторович, тыый, бачча ыраахтан размергытын биэрэ кэллигит диэ? Оттон төлөпүөн нөҥүө ыйан ыытаххытын даҕаны сөп этэ... таах даҕаны, илэ ылбыт ордук, - кыыс туохтан эрэ үөрбүт-көппүт көрүҥүн уларыппыта буолан, дьоһуннук тутта сатаата.
  • Дорообо. Ээ, миигин Викторовичтаама дии. Көннөрү ааппынан Омоллоон диэ дии...   Омоллоон, миигин батыс... – Нарыйа маҥнайгы этээскэ түгэх турар хос диэки хаамта. Кыыс хааман иһэрин Омоллоон кэнниттэн одуулаата. Чыаппаччы ылбыт орто уһун хара дьууппата синньигэс биилин эбии чорботон, хаймыылаан биэрбит. Онуоха, хас хардыы оҥордоҕун ахсын самыыта оргууй долгулдьуйан, умсугутан ыларга дылы. Маны кытта, ыһыллаҕас, хара баттаҕа дьэрэкээн лаампалар анныларыгар эриэккэстик суһумнаан көһүннэ... (салгыыта суруллуо)

Чугдаара

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:14

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 2

  • Нарыйа, мин бу нэһилиэккэ улааппытым эрээри, эйиигин балтыкааны саҥа көрөр эбиппин дии, - Омоллоон кирилиэһи дабайан иһэн, кыыһы кытта кэпсэтиини саҕалаата.
  • Уон биэс сыл анараа өттүгэр ийэм маннааҕы Бөтүрүөптэр уолларыгар кэргэн таҕыстаҕа дии. Мин аҕам атын этэ, эрдэ өлөөхтөөбүтэ. Ийэм олоҕун иккиһин оҥостон, бу дойдуга кийиит буолан сүктэн кэллэҕэ. Миигин буоллаҕына эбээлээх эһээм олох ыытыахтарын баҕарбатахтара, онон, тохсус кылааска диэри ийэм дьонугар олорон үөрэммитим. Онтон, ол кэнниттэн ийэм олох манна ыҥыран ылбыта, маннааҕы оскуолаҕа үөрэммитим...
  • Ээ, оттон кэргэниҥ хайа дойдунуй? – Омоллоон ордук кэрэхсиир, билиэн баҕарар боппуруоһун ыйытта.
  • Кэргэним – бииргэ үөрэммит уолум. Онус уонна уон биирис кылааска бииргэ үөрэннэхпит... Маннааҕы уол... – Нарыйа хайдах эрэ кэпсиэн, арыллыан баҕарбатахтыы чуумпуран хаалла. Омоллоон бэйэтиттэн уонтан тахса сыл балыс кыыһы харахтыын хайҕаатар, сүрэхтиир сөбүлээтэр даҕаны, хайдах эрэ, ыксары билсиһиэн, муҥ саатар доҕордуу истиҥ сыһыаны олохтуон, кини туһунан элбэҕи билиэн санаата. Нарыйа «Костюмерная» диэн хоско Омоллоону сирдээн аҕалла. Эмискэ иккиэн хабыс-хараҥаҕа киирэн кэллилэр. Кыыс уоту холбоору булумахтанна.
  • Бээ, уоппутун холбуур сири куруутун наһаа эрэйдээхтик булабын ээ дии...
  • Уоту тыктарыам эрэ... – Омоллоон суотабай төлөпүөнүн уотун тыктарда уонна бэйэтэ уоту холбоору выключательга илиитин уунан ииһэн, алҕаска Нарыйа нарын тарбахтарын таарыйан ылла.
  • Уай... – кыыс соһуйбуттуу чугурус эрэ гынан хаалла.
  • Ээ, алҕас, үрдүк киһи бэйэм холбуом диэн уруттаары гыммытым...
  • Чэ, холбоо. Омоллоон уоту холбоотун кытары, хос иһэ сып-сырдык буола түстэ, тулата барыта – эгэлгэ таҥас-сап, ол быыһыгар ыскаап, комуот уонна сиэркилэ турар. Кыыс хантан эрэ метровканы, уруучуканы уонна ыраас илииһи булан аҕалла.
  • Омоллоон Викторович...
  • Викторовичтаама диэбитим дии, - дии-дии Омоллоон мичээрдээтэ уонна Нарыйаны одуулаата.
  • Ээ сөп, арба, соҥҥун уһул дии. Ити халыҥ толстовкаҕыҥ эмиэ уһул... – кыыс хайдах эрэ эр киһи кинини тонолуппакка одуулуурун бэлиэтии көрөн, кыбыстыбыттыы сирэйин умса туттунна.
  • Устан бөҕө буоллаҕа... – Омоллоон сонун уонна куоптатын уһулла. Төһө даҕаны эр киһи орто сааһын син аастар, аҥаардас футболкалаах эрэ хаалбытыгар, илиитин былчыҥа быыппастан, суон харыта модьураан көһүннэ, эбиитин эбии үрдүк уҥуохтаах буолан, кыыс иннигэр саба барыйан турар улахан боотур курдукка майгынныыр моһуоннанна. Нарыйа даҕаны хайдах эрэ сонуурҕуу көрбүттүү, иннигэр болтоллон турар Омоллоону одуулаамахтаата уонна хайдах эрэ симиттэн ылла, бэл, имэ кэйдэ.
  • Чэ, саҕалыах... – диэтэ уонна чуумпутук метровкатын ылан эр киһиэхэ сыста чугаһаата. Кыыс Омоллоон кэтит сарынын, биилин, онтон өттүгүн кэтиттэрин кээмэйдээтэ. Ол тухары, эр киһиэхэ сылаас тыынынан илгийэн, сымнаҕас этинэн-сиининэн ыксары чугаһаталаан ылла. Омоллоон бу тухары Нарыйа күөкэгэр моойун, нарын чэчэгэйин, кылабачыгас баттаҕын, бэл, кып-кырачаан, кэрэчээн чөмчүүк таас ытарҕалаах маҥан кулгааҕын өйдөөн-дьүүллээн көрдө уонна ис-иһиттэн олус иэйэ санаата... кини маннык курдук истиҥ иэйиигэ, таптал уоҕугар майгынныыр дьикти турукка ылларбатаҕа ыраатта. Бэл, кэргэнин бастаан көрөн баран маннык абылаппытын өйдөөбөт.
  • Чэ, бүттэ, барытын кээмэйдээн ыллым. Онтон таҥас матырыйаалын кэлин быһаарсыахпыт... – Нарыйа хайдах эрэ ыксаабыттыы туттан-хаптан барда.
  • Ээ дуо, оттон мин бачча кэлбиччэ барытын быһаарсан кээһиэхпин баҕарабын дии... Ханнык матырыйаалы этэргин эҥин харахтаан көрүөхпүн баҕарабын... – Омоллоон кыыһы кытта көрсүһүү, алтыһыы манан бүтэн хаалыаҕын астыммата.
  • Оттон, манна оннук матырыйаал суох.
  • Ама суох дуо? Бу көстүүм бөҕөтө турар дии.
  • Ээ, суох. Мин ыксаатым, чэ... – Нарыйа чахчы ыксаабыттыы аан таһыгар кэлэн турунан кэбистэ. Омоллоон кыыһы аһары одуулаабытын анарааҥҥыта бэлиэтии көрөн, кыбыстыбытын таайда. Иһигэр: «Таах сибиэ одуулааммын, сөбүлүү көрбүппүн сэрэйдэ быһыылаах», - дии санаата уонна хайдах гынан алтыһыыны уһатыаҕын толкуйдаата... Онтон сирэйин кистиирдии туттан турар кыыс аттыгар кэллэ уонна: «Нарыйа, эн наһаа кэрэ кыыскын. Эн миигин туох даҕаны дии санаама. Харахтаах буолан бараммын харахпын ханна гыныахпыный? Аттыбар бааргын көрдөҕүм дии... кыраһыабайга киһи хараҕа бара турар, ону баһаалыста баалаама»... – диэн аһаҕастык быһааран кэбистэ. Кыыс манныгы эрэ истиэм диэбэтэхтии соһуйан, утары эрилис-турулус көрдө, туох диэн этиэҕин мунаахсыйан, уоту араара охсон таҕыста.
  • Омоллоон Викторович, чэ, досвидание! Мин эппиппиппинэн матырыйаалгытын ылаарыҥ бэйэҕит! – диэтэ уонна кирилиэһи таҥнары сүүрэр-сүүрбэт икки ардынан элэс гынна. Эр киһи соҕотох туран хаалла. Ол эрээри, ыксаабакка, оргууй наллаан, истиэнэҕэ ыйанан турар быыстапка хаартыскаларын көрөргө сананна. Манна олохтоох тыйаатыр туруорбут испэктээкиллэрин хаартыскалара эбит. Арай көрбүтэ – Нарыйа ыллыы турар. Биир хаартыскаҕа – суһуоҕун икки гына өрүнэн баран, былыргылыы халадаай кэтэн, хомойбут сирэйдээх сыана ортотугар турар, бука, артыыстыы сылдьар. Өссө сорох хаартыскаларга элбэх буолан түспүттэр. Барытыгар Нарыйа күлбүт-үөрбүт, олус дьолломмут көрүҥнээх.

Нарыйа ыксаабыттыы туттан-хаптан үлэлиир хоһугар киирэн кэллэ. Омоллоон эппит тылларыттан, көрбүт-истибит көрүҥүттэн хайдах буолуоҕун билбэккэ, төттөрү-таары хаамыталаата, туой түннүгүнэн таһырдьаны одуулаамахтаата.

  • Хайа, Нарыйаа, туох буоллуҥ эн уопсайынан? Маарыын эрэ бэрт наҕыл киһи тахсан барбытын. Төттөрү киирэргэр туох айылаах буолан хааллыҥ? – диэн кэбиниэккэ бииргэ олорор кэллиэгэтэ Лина ыйытта. Онуоха кыыс долгуйбутун биллэримээри, уоскуйбут курдук туттан, көмпүүтэрин иннигэр олордо.
  • Ээ, улахан суох. Арай ити киһи хайдах эрэ киһини наһаа дьиибэтик көрдө, ону өйдөөбөтүм ити...
  • Ээ дуо? Били баай Баабылабы этэҕиҥ дуо?
  • Баай Баабылап диэн ааттыыллар дуо?
  • Били эйиэхэ кэлэ сылдьан таҥас тиктэриэхтээх Омоллоон Викторович Баабылаптыын көрүстүҥ бытта дии... – диэн кэллиэгэтэ мичиҥниир.
  • Кини кэлэн барда...
  • Тыый, киһиҥ бу таҕыста... Бу кэмҥэ Нарыйа түннүккэ сыста түстэ. Омоллоон кулууптан тахсан баран, массыынатыгар чугаһаата уонна кулууп диэки көрөн ылла. Онуоха кыыс саһан биэрдэ. Онуоха, кэллиэгэтэ Лина күлэр.
  • Нарыйаа, наһаа даҕаны итинник долгуйбатар. Туох айылаах, ол хайаатай? Бээ эрэ, эн ити киһиттэн сэрэнэ сырыт эрэ! Тот еще мачо үһү итинтикэҥ. Хаста даҕаны көссүүлэнэ сылдьыбыт үһү дииллэр. Уонна киһи даҕаны быһыытынан соччото суох быһыылаах. Биир киниэхэ үлэлии сылдьыбыт киһи хамнаһын үчүгэйдик төлөөбөт, мөҕөр-этэр, күүскэ үлэлэтэр диэн кэпсээбиттээҕэ... – кэллиэгэтэ уоһун чорбото-чорбото өссө элбэҕи кэпсиирдии оҥостон, дьыбааҥҥа кэлэн олордо. Нарыйа, истибэтэҕин истэн, билбэтэҕин билэн, саҥата суох баран хаалла, муодарҕаабыттыы, Лина диэки ыйытардыы көрдө.
  • Ити киһи туһунан кэпсээн элбэх, ол-бу диэн суруйдаҕына эҥин хоруйдаамаар, аны эн курдук кыраһаабыссаны буулаары гыныаҕа. Оннук суруйбутун Сашаҥ биллэҕинэ дьэ иэдээн буолар, онто даҕаны суох куруутун кулууп тэрээһиннэригэр кыттаргын биһирээбэт дии кэргэниҥ, - кэллиэгэтэ салгыы кэпсиир.
  • Чэ, Лина, ити киһи туһунан, мин кэргэним туһунан кэпсэтимиэх дии, ити киһи миигиттэн балачча аҕа саастаах дии, киниэхэ тоҕо наадыйдахпыный мин? Кэргэннээхпин, оҕолордоохпун даҕаны дии мин, харыс даҕаны сири чугаһаппаппын, аньыы, кэбис, - Нарыйа дьэ уоскуйбуттуу көмпүүтэригэр кэлэн, үлэтин бэчээттээн барар.

Балтараа ый ааста. Нарыйа Омоллоон сакааһынан хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөөх, үрүҥ көмүс тимэхтэрдээх эр киһи сахалыы сонун тигэн бүтэрдэ. Сайын саҕаланыытын үгэнэ буолан, айылҕа барахсан тыллан, дэриэбинэ иһэ тупсан турар. Омоллооҥҥо санаатыгар үс үйэ тухары үллэ турар үптээх, аҕыс үйэ тухары алла турар баайдаах дьон туох-баар баардарын барытын ыһа-тоҕо ыспыттарын курдук үтүө дойду тоҕо эрэ бу күннэргэ эбии киэркэйбиккэ дылы. Тоҕо диэтэр, кини бүгүн Нарыйалыын көрсүөхтээх. Кыыс дьоллоох Дьокуускай куоракка биир дьыалатын ситиһэ киириэхтээх буолан, таарыччы эр киһиэхэ анаан тикпит сонун илдьэ кэлиэхтээх. Омоллоон сиэркилэ иннигэр туран, Москваттан ГУМ атыы-эргиэн кииниттэн балай эмиэ ыарахан сыанаҕа атыыласпыт ырбаахытын саҕатын көннөрүннэ, килэрийбит галстугун иилиннэ, одьукулуонун оргууй ыстарынан баран, бэйэтин мөссүөнүн одуулаата. Көрдөҕүнэ, син сэнэх көрүҥнээх, орто уһун уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, дьарыктанар идэлээх буолан, илиитин былчыҥа таҥас нөҥүө быыппастан көстөр. Оттон сирэйэ-хараҕа аҕамсыйбыт моһуонун төһө даҕаны номнуо биллэрбит буоллар, харах кытыытынааҕы мыччыстаҕаһа, иэдэһин олоруута арыый санньыйан биэрбитэ улаханнык мөлтөппөккө дылы. «Мин өссө даҕаны эдэрчи соҕуспун. Өссө даҕаны таптыыр, таптатар, таптаһар кыахтаахпын...» - дии санаата Омоллоон бэйэтин уоттаах хараҕын көрөн туран. Бу кэмҥэ аттынан кэргэнэ Ася ааһан иһэн тохтуу биэрдэ:

  • Хайа, бу туох айылаах сыт-сымар, ыбылы кырыллыбыт бүрүчүөскэ буолаҥҥын ханна бардыҥ?
  • Ээчэ, эйиэхэ ол туохха нааданый? Үлэбинэн көрсүһүү элбэх буоллаҕа, ол-бу тэрээһин.
  • Айуу-чэ, бээ-эрэ, эн биһиги эрдии-ойох ааттаахпыт даҕаны, хаһан даҕаны миигин кытта бу киэргэнэн эҥин рестораҥҥа даҕаны барбаккын дии!.. Ээ сөп, өйдөөтүм. Эмиэ көссүүлэнниҥ дуо? Барахсан, ол кыыска ымсыыра да санаабаппын. Биир-икки түүн кэннэ, интэриэһэ сүтүөҕэ буоллаҕа... – дии-дии Ася алларастыы-алларастыы күллэ
  • Баҕар, көссүүлэммэтэҕим буолуо дии, эмиэ ол-бу диэн тыллаһан эрэр! – Омоллоон кэргэниттэн үчүгэй тылы истибэтэҕэ ырааппыт буолан, туох даҕаны соччо утары саҥарбата даҕаны.
  • Арба даҕаны, тоҕо миигин кытта баччааҥҥа диэри олороохтуурун эбитэ буолла?.. Ол онно хоруйу мин билэбин – эн мин баарбар, мин эйиэхэ докумуонун өттүгэр, хос үлэҕин оҥорон биэрэрбэр, оҕолорбутугар болҕомтону биир үксүн мин уурарбар үөрэнэн хаалбыккын! Эн тапталгар билигин кэлэн соччо кыһаммаппын даҕаны, барахсан, кырдьан баран кылыыһыт диэбиккэ дылы, оҥостоохтуур ээ дөссө...
  • Тохтоо эрэ, эн! Киһи настарыанньатын түһэрэн! – Омоллоон киһи эрэ буоллар, кыыһырбытын биллэрдэ.
  • Бай, син кыыһырар эбиккин дуу? Чэ, кэбис, эйиигин сордообоппун. Мин эйиэхэ холоотоххо, быдан кыраһыабай буоллаҕым, хата, астына көрөөччүлэр элбэхтэр ини? Эйиигин кырдьан эрээччини ким көрөр үһүнүй? Наадыйар даҕаны буоллахтарына, халыҥ харчыгар эрэ кыһаллыахтара. Сүрэххин өҥөйөн көрөр санаалара суох кылгас өйдөөх буолуохтара.
  • Чэ, кэбис, бардым! – Омоллоон Ася саҥатын-иҥэтин тулуйумуна, түргэнник хомунан, таһырдьа таҕыста Массыынатыгар олорон эрээритин, бэйэтин өссө биирдэ сиэркилэҕэ көрүннэ, ол тухары кэргэнэ Ася «эйиигин, кырдьан эрээччини ким көрөр үһүнүй?» диэн сытыы тыллара кулгааҕар иһиллэн чуҥкунуу турдулар. Тоҕо өр сыллар тухары хоойго сыппыт ойоҕо, ханыыта буолбут доҕоро, олоҕун аргыһа кинини абааһы көрөрдүү тыллаһара буолуой? Кини, эдэрчи сылдьан даҕаны, син хаппырыыстыыр кэмнэрдээх, сытыы тылынан саҥаран киҥнэммитэ элбэх этэ. Эр киһи онуоха соччо улаханнык аахайбат курдуга ээ. Дьахтар маннык айылгыта кэмниэ кэнэҕэс, хомнуо хойут уҕарыйан барыа дии санаабыттааҕа. Ол эрээри, баайы батыһан, харчы хачыгырыырын элбэтэн, үлэ үөһүгэр умса түһэн, дьахтар хаппырыыһа, ирдэбилэ өссө элбээн барбыта. Хаста даҕаны арахса сыспыттыра эрээри, саҥа улаатан эрэр, кэтэһиилээх кыыс оҕолорун тустарыгар син ыал буолан олорон көрөргө кыһаллыбыттара.Ол кэмтэн, нууччалы ханалытан этэр буоллахха, үгүс уу устан ааспыта... Чэ, ити хааллын. Бүгүн Омоллоон Нарыйалыын көрсүһэр. Кыыс төһө даҕаны кэргэннээх буоллар, кинилиин аҕыйахта ситимҥэ даҕаны кэпсэтэн, эр киһи санаата көнньүөрэргэ, бороҥ тулатыгар кыратык даҕаны буоллар күн сырдыга кыламныы түһэргэ дылы. «Арааһа, мин Нарыйаны таптаан эрэбин быһыылаах...», - дии санаата Омоллоон айаннаан иһэн... (салгыыта суруллуо)

Чугдаара

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:16

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 3

Дьокуускай куорат тыһыынчанан уотунан сандааран, үгүс тимир көлө уоттарынан күлүмнээн турар. Муус устар киэһээҥҥитэ буолан, халлаан арыый сырдаан, нэлэйэн көстөр. Ону кытта сааскы хахсаат кыал киэҥ эбэ хайысхатыттан тыйыстык үрэр. Хас даҕаны мэндиэмэннээх таас дьиэ аттыгар улахан Тойота Хайс массыына кэлэн тохтоото, таксист киһи ааны кэлэн арыйаатын, икки улахан суумкатын тутуурдаах Нарыйа тахсан кэллэ.

  • Тыый, туох ааттаах улахан суумкалардааххыный?
  • Ээ, сакааска таҥас тигэбин дии, онтукаларбын илдьэ кэллим, - диэн Нарыйа мичээрдиир, - харчыбын маарыын мобильнайгар ыыппытым.
  • Сөп, махтал... Кыыс подъездка малларын соһон киирэн истэҕинэ, суотабай төлөпүөнэ тырылаата.
  • Алуо!
  • Алуо, Нарыйаанам, хайа тиийдиҥ дуо? – төлөпүөн анараа өттүгэр кыыс кэргэнэ Альберт куолаһа иһилиннэ.
  • Тиийэн. Бээ, тохтоо, мал бөҕөлөөхпүн. Кэпсэтэр кыах суохха дылы. Киирдэхпинэ эрийиэҕим дии.
  • Дьэ, кэм кини эмиэ сүгүн кэпсэппэтэ, эмиэ солото суох аатырда! – эр киһи күргүйдүөхчэ курдук саҥарда.
  • Алик, эн миэхэ итинник кыыһырымарыый. Оттон чахчы оннук ээ.
  • Сөп чэ, төттөрү хаһан кэлэҕиҥ? – Альберт куолаһын арыый сымнатар.
  • Сарсын субуотаҕа эбэтэр өйүүн баскыһыанньаҕа, - Нарыйа суумкатын сиргэ уурда уонна лифкэ этээһин нүөмэрин баттаата.
  • Ханна сылдьыбыккын кэпсээн иһээр! Пока! – диэт, эр киһи төлөпүөнү ууран кээстэ. Нарыйа лифт иһигэр киирдэ, этээһин сыыппаратын баттаата уонна өрө тыынна. Кэргэнэ Альберт ити курдук кини хас биирдии хардыытын кэтии-маныы сатыырыттан сылайыах курдук буолан эрэр. Чахчы даҕаны, эр киһи кинини хас биирдии баҕанаҕа күнүүлээбитин ааһан, онно-манна көҥүллүк, бэйэтин эрэ соҕотохтуу ыытарын сөбүлээбэт. Ханнык эмит өрөбүлгэ бу курдук Дьокуускай куоракка киирдэҕинэ, биирдии-иккилии чаас буола-буола төлөпүөнүгэр эрийэн, ханна, хайдах сылдьарын туһунан сураһар идэлээх. Дьэ тоҕо маннык күнүүһүт киһини, саатарын, Нарыйа булан ойох тахсыбыта буолуой? Эрдэ этэн аһарбыппыт курдук, Нарыйа нэһилиэккэ ийэтин батыһан, 10 кылааска саҥа оскуолаҕа үөрэнэ кэлбитэ. Сандаарбыт маҥан, номоҕон сирэйдээх, тугутчаан курдук чоҕулуччу көрбүт кыысчааны кылаас ыстаарастата, киирбит-тахсыбыт сытыы уол Алик тутатына сүрэхтиин сөбүлээбитэ. Бастаан билсиһэн, онтон көннөрү доҕордуу буолбуттара. Хас биэчэр ахсын бытаан үҥкүүгэ уол Нарыйаны ыҥырара, хас үҥкүү кэнниттэн дьиэтигэр диэри атаарара. Ол эрээри, кыыс уолу наһаа чугаһаппакка сырыппыта. Оскуоланы бүтэрбит сылларыгар Алик Нарыйаҕа тапталга билиммитэ, үнүстүтүүккэ үөрэнэ киирбитигэр даҕаны, олох сүгүннээбэтэҕэ. Бу сылдьан, кыыс олоҕор эмискэ биир ыарахан күннэр үүммүттэрэ. Кини иитинньэҥ аҕата, ийэтин тапталлаах доҕоро күн сириттэн күрэммитэ. Инньэ гынан, кини бииргэ төрөөбүт балыһын уонна оччугуй быраатын соҕотох иитэ хаалбыт ийэтигэр көмө буолаары, кэтэхтэн үөрэниигэ көспүтэ уонна дойдутугар кэлбитэ. Олохторун кытаанах эркинэ, хаһаайыстыбаҕа бас-көс киһитэ суох хаалан, аҥаардас дьахтарга уонна Нарыйаҕа ыарахан дьыл ааспыта. Альберт бу сыл, кыыска көмөлөһөөрү диэн соруктанан дуу, эбэтэр үөрэҕин кыайбакка эбитэ дуу, устудьуоннаан бүппүтэ уонна эмиэ дэриэбинэтигэр кэлбитэ. Уол кэлээт даҕаны, кыыска уонна кини ийэтигэр көмөлөһөн саҕалаабыта. Хас күн ахсын кэриэтэ кэлэн мас мастаан, муус таһааран абыраабыта. Оннук гынан, Нарыйа хараҕар олус үтүө суобастаах үлэһит бэрдэ буолан көстүбүтэ. Бу курдук өссө биир сыл ааспыта уонна уоллаах кыыс холбоспуттара. Онтон утуу-субуу уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Нарыйа култуура үөрэҕин кэтэхтэн бүтэрэн, олохтоох кулуупка методиһынан ананан кэлбитэ. Кэргэнэ буоллаҕына кэлин биир орто үөрэҕи бүтэрбитэ. Онон, бастаан үлэ булбакка, оскуолаҕа харабыллаабыта, онтон хачыгаардаабыта. Ол эрээри, биир үлэҕэ түптээн олорбокко, кэлин тиһэҕэр, биир доҕорун өйөбүлүнэн, дьаһалтаҕа испэсэлииһинэн ананан күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үлэлиир. Эдэрдэр уонча сыл син ыал-ыал курдук олох түһүүтүн-тахсыытын билэн, син сэнэхтик олорон кэллилэр. Дьиҥинэн, барыта орун оннугар буолуоҕун, Нарыйа тоҕо эрэ, туохтан эрэ куруутун туоххаһыйар буолла. Ол төрүөтэ – Алик. Эр киһи бу сыллар тухары бэйэтин майгытын толору арыйан, үтүө да, мөкү да > Korkina Iraida: өттүн көрдөрдө ини, көрдөрбөтө ини. Кыыс кулуупка үлэлиир буолан, араас элбэх тэрээһиннэргэ тиийэн сүтэн хааларын, онтон сылайан-элэйэн кэлбитин кэнниттэн, биллэн туран, эрэ ахсарбат этэ. Итинтэн сылтаан күнүүлэһии, кэтэбил элбээбитэ. Эдэр дьахтар даҕаны, хоойго сытар холоонноох доҕоругар сыһыана уларыйбыт курдук буолбута. Биир күн, арай, уһуктан кэлэн баран санаабыта – кини Альберты хаһан даҕаны таптаабатах эбит. Алҕаска, олох ньулуунун кэмигэр, эрэллээх үлэһит доҕор өйөбүлүгэр үөрэнэн хаалан, ойох буола охсубутун бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалбытын өйдөөбүтэ. Ол курдук, Нарыйа билиҥҥэ диэри уохтаах таптал ис дьиҥин билбэккэ сылдьар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо... ол иһин дуу, хайдах дуу, кылам даҕаны иэйиини айар үлэттэн сомсор, иистэнэр буолбута, маны таһынан, ыллыыр-туойар дьоҕурун сайыннарбыта уонна кулуупка ыытыллар үгүс сэргэх тэрээһиннэриннэргэ сылдьан, санаатын аралдьытара. Онон, олоҕо айымньылаах үлэтинэн саҕыллан уонна оҕолорун туһа диэн салҕанан испитэ...

  • Хайыа, привет Нарыйаа! – ааны мэлдьи күлэ-үөрэ сылдьар, элэккэй көрүҥнээх эдэр дьахтар арыйда. «Хата сөпкө кэллим, хойутаабыт курдук санаммытым, дьиэҥ сандааран олох сырдыгыан!», - дии-дии, Нарыйа дьүөгэтин Катя киэҥ кыбартыыратын куухунатыгар ааста. Эдэр дьахталлар чэйдээн баран, саалаҕа аастылар.
  • Дьэ, кэпсээ, Нарыйа, бу сырыыга кимиэхэ тугу тигэн аҕаллыҥ? Хата, көрдөртөө. Иистэнньэҥ кыыс аҕалбыт суумкатыттан илдьэ кэлбит, саҥа тикпит икки таҥаһын, атыылаары сылдьар, ааспыт ыйдарга тикпит халадаай былааччыйаларын көрдөртөөтө. Ол быыһыгар, Омоллооҥҥо анаан тикпит сонун көрдөрө турдаҕына, оруобуна Нарыйа төлөпүөнэ тыаһаата.
  • Нарыйа, дорообо, дьоллоох Дьокуускай куоракка кэлбиккиттэн олус үөрдүм. Ханна бааргыный? Тиийэн ылыам, - диэн мэбиилинэй аппараат анараа өттүгэр Омоллоон эйэҕэс куолаһа иһилиннэ. Кыыс маны истэн, соһуйан хаалла. Туох диэн хардарыаҕын билбэккэ: “Дорообо, оттон...” – эрэ диэн хоруйдаата.
  • Сэгээр, наһаа соһуйума ээ, оттон эйиигин кытта көрсүһэн, сахалыы соммун ылбаппын дуо? – диэн, Омоллоон Нарыйаны уоскутардыы саҥарар тэтимин наҕылытта.
  • Ээ... оттон, куорат кииниттэн чугас сиргэ дьүөгэбэр баарбын, манна кэлэн, кэтэн көрүөххүтүн сөп буолуо... – Нарыйа сирэйин умса тутунна.
  • Чэ, бэрт, миэхэ аадырыскын ыыт, сибилигин тиийиэм, массыынабынан сылдьабын, - Омоллоон эрэллээхтик хардарда уонна төлөпүөнү уурда. Кыыс суотабайы ууран баран, суумкаттан Омоллоон плечиктээх сонун хостоон, көхөҕө ыйаата уонна тоҕо эрэ таҥаһы оргууй имэрийэ турда.
  • Хайа, Нарыйаа... – Катя саҥалыын-иҥэлиин, туттардыын-хаптардыын уларыйбыт дьүөгэтин сирэйин-хараҕын манаата.
  • Тугууй? – Нарыйа туох даҕаны буолбатах курдук туттунна.
  • Билигин ити ким кэлиэхтээҕий? Ити сахалыы эр киһи сонун кимиэхэ тикпиккиний? – дьүөгэтэ билэн-көрүөн баҕата баһыйда.
  • Ээ, биир бизнесмен киһи баар, олох ыксалга диэн сакаастаабыта, онон, кини таҥаһын урут тикпитим. Оттон, бээ, улахан килийиэн буолан, хайдах эрэ баҕар сириэҕэ диэн долгуйабын.
  • Хата инньэ диэ... ...Сотору кэминэн, кыбартыыраҕа звонок тыаһаата. Катя дьиэ хаһаайката буоларын быһыытынан тиийэн ааны арыйаатын, сыаналаах одьукулуон сыттаах, хара кожа кууркалаах, ол иһинэн килэрийбит хаалтыстаах, сырдык ырбаахылаах, ыбылы өтүүктэммит бүрүүкэлээх, кылабачыйа сылдьар ыраас бачыыҥкалаах Омоллоон киирэн кэллэ. Саалаттан утары Нарыйа таҕыста.
  • Дорообо, Нарыйа...
  • Дорообо, Омоллоон Викторорович, ээ то есть Омоллоон.
  • Чэ, киириҥ, ааһыҥ, - Катя киирбит киһиэхэ таапычка ууран биэрдэ, - маны кэтиҥ. Омоллоон саалаҕа киирэн, таҥаһы илиитигэр ылан, тутан-хабан, тас таҥаһын устан, кэтэн көрүөр диэри, ким даҕаны саҥа таһааран быктарбата... кылгас кэмҥэ чуумпу бүрүүкээтэ. Нарыйа эр киһиэхэ сон төһө барсарын кэтиир, Омоллоон кыыһы одуулуур, онтон маны барытын Катя туораттан чуумпутук көрөн-истэн олорор.
  • Бээ, сиэркилэҕэ көрүнүөм эбит... – Омоллоон дьэ үөдүйбүт чуумпуну уйгуурдан саҥа таһаарда.
  • Ээ, ыы, Катя, хоско сиэркилэр баар этэ дуо? – Нарыйа дьүөгэтиттэн ыйытар.
  • Аһаа, - анарааҥҥыта хардарар. Кыыс хос диэки хаампытын, Омоллоон батыста. Онтон иккиэн эмиэ биир хоско баар буола түстүлэр. Иһирдьэ улахан сиэркилэлээх гардероб, хаһаайка утуйар ороно, тумбалар, комод уонна киэргэнэр остуол бааллар. Нарыйа бу сырыыга эр киһиттэн арыый тэйиччи турда. Оттон Омоллоон сиэркилэҕэ кэтэн турар таҥаһын эргим-ургум көрүннэ.
  • Тыый, олох миэхэ наһаа барсар дии, олус даҕаны чахчы талааннаах киһи эбиккин...
  • Махтал...
  • Нарыйаа, бу сону эрэ тигэн баран, сибээспитин сүтэримиэх дуу... – Омоллоон кыыска чугаһаата.
  • Оттон... тохтоо... – кыыс аан диэки чугуруйда.
  • Сэгээр, эн миигиттэн тоҕо тэйэҕиҥ? Эн таскар туруохпун саныыбын дии, аттыгар баар буоллахпына тулам барыта тупсарга дылы... – Омоллоон субу Нарыйаҕа чугаһаан, кулгааҕар сибигинэйэр.
  • Омоллоон Викторович, чэ, харчыгытын ыытаарыҥ. Бу нүөмэрбэр баарбын... – Нарыйа кэннин диэки өссө эбии чугуруйан, ааҥҥа кэлэн иҥиннэ.
  • Нарыйаа, мин эн оҕонньордооххун, ыал киһи буоларгын билэбин буоллаҕа. Ол эрээри, эйиигин кытта билсиэхпиттэн өйүм-санаам барыта эн буолан хааллыҥ дии, бэйэм даҕаны билбэппинэн эйиэхэ бассаапкар «үтүө сарсыарданан», «үтүө киэһэнэн» диэн ыыппытым баар буолар... - Омоллоон салгыы сибигинэйэр. Нарыйа онуоха туох диэн хардарыаҕын билбэккэ, киниэхэ итии тыынынан, одьукулуонун сытынан дыргыйан, олус чугаһаабыт эр киһи хараҕын утары чоҕулуччу көрөн ылла, онтон умса тутунна, дириҥник, чуумпутук тыынан ылла уонна хостон тахсан барда. Омоллоон кинини батыһан, саалаҕа кэллэ.
  • Дьүөгэҕит олус талааннаах, наһаа бэркэ тикпит. Бэйэбин олох саха саарынын курдук сананным...
  • Оннук ээ, Нарыйа саамай талааннаах кылааһынньыссабыт. Ырыаһыт, иистэнньэҥ, артыыска... –
  • Оодьэ, Катя, чэ киһини кыбыһыннарыма, - Нарыйа дьүөгэтин диэки ааттаспыттыы көрдө, кини Омоллоон истэн турдаҕына хайҕаныан баҕарбата. Эмискэ, бу түгэҥҥэ Катя суотабай төлөпүөнэ тыаһаата. Кыыс кылгастык кэпсэтээт, дьүһүн кубулуйа түстэ, ыксаабыт көрүҥнэннэ.
  • Каать, хайа, туох буолла?
  • Нарыйаа, эдьиийим аварияҕа түбэспит үһү, онон, мин суһаллык ийэбэр барыахпын наада! – кыыс дьүөгэтэ бэрт ыксалынан хоһугар сүүрдэ.
  • Даа, онтон тугунан бараҕыҥ? Таксинан? Балачча ыраах олороллор дии… - Нарыйа ытаары гыммыт сирэйдээх-харахтаах дьүөгэтин аһынна, хайдах быһыылаахтык көмө буолан абырыаҕын билбэтэ.
  • Кыргыттаар, оттон мин илдьэн биэриэм ээ... – Омоллоон номнуо сахалыы сонун илиитигэр эрийэ тутан, аан таһыгар кэлэ охсубут.
  • Чахчы даҕаны, Омоллоон, абырыаҥ этэ оччотугар, - Нарыйа эр киһи диэки көрдөспүттүү көрдө.
  • Тиийэ охсуохпун наада суһаллык... – Катя күлбүт-үөрбүт, сэргэх сирэйэ-хараҕа уостан, хараҕыттан көмүскэ уута бычалыйда уонна Омоллоонноох Нарыйаттан сирэйин кистээтэ.
  • Мин эмиэ барсабын, - Нарыйа эмиэ тас таҥаһын кэттэ.
  • Чэ, барыах! – диэтэ эр киһи. Омоллоон, дьиҥинэн, эмиэ даҕаны соччото суох эрээри, кыыстыын арыый өр алтыһар түгэн үөскээбититтэн үөрэ санаата. Гынан баран, дьон хомолтото кини биир баҕа санаатын ханнарара эмиэ даҕаны табыгаһа суохха дылы. Кыргыттар массыына солуонун кэлин сидиэнньэтигэр киирэн уку-сакы олорунан кэбистилэр. Айан устатын тухары чуумпу бүрүүкээтэ, арай Катя төлөпүөнүнэн кимниин эрэ суруйсар. Нарыйа буоллаҕына дьүөгэтин саннын кууһан олордо, оттон Омоллоон Дьокуускай уотунан тырымнаабыт киэһээҥҥи уулуссатын устун айаннаата. Син айаннаан, куорат кытыытынааҕы оройуоҥҥа Катя дьонун дьиэтин аттыгар тохтоотулар.
  • Каать, мин киирсэбин дуо? – Нарыйа оргууй дьүөгэтиттэн ыйытта.
  • Билбэтим ээ… Ээ, таах даҕаны суох буолуо, бырастыы Нарыйа, арба, мэ, эйиэхэ бу кыбартыыра күлүүһэ, арааһа, бэйэҥ хоноохтууруҥ буолуо... Мин ийэм аахха хонуоҕум. Чэ, эһиэхэ махтал. Омоллоон Викторович, махтал, покаларыҥ, – Катя массыына аанын сапта. ...Үүт маҥан массыына, аан сабыллаатын кытары, куорат киинин диэки төттөрү турунна... Омоллоон уонна Нарыйа, аан маҥнайгытын өр соҕус кэмҥэ иккиэн эрэ хааллыллар. Кинилэртэн ураты ким даҕаны аттыларыгар суох, ким даҕаны улаханнык ханна даҕаны ыксаабат...
  • Нарыйа, эн төһө ыксыыгыный? – Омоллоон дьэ саҥа таһаарда.
  • Наһаа ыксаабаппын, сорох сакаастарбын сарсын кэлэн ылыахтаахтар... ону хайаары? – Нарыйа кинини сөбүлүү көрөр эр киһини кытта биир массыынаҕа иккиэйэҕин эрэ хаалбыттарыттан кыбыста санаата. Кини түргэнник дьүөгэтин кыбартыыратыгар төттөрү тиийиэҕин эрэ туһунан ырыҥалыы олордо.
  • Нарыйаа, ыксаабат буоллаххына, мин эйиэхэ биир наһаа үчүгэй сири көрдөрүөм... – диэтэ Омоллоон уонна массыынатын ыытарын түргэтэтэн биэрдэ. Кини билигин аҕыйах мүнүүтэнэн биир ураты кэрэ сиргэ, кэлиҥҥи күннэргэ куруутун саныыр кыыһын кытта айаннаан иһэр. Эриэккэс да түгэн буолла!..

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:18

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 4

Нарыйа киэһээҥҥи Дьокуускай устун Омоллоон массыынатыгар айаннаан иһэн, түннүк нөҥүө сурулаан ааһар остуолбалар, сүүһүнэн тимир көлө, элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэр чаҕылыспыт уоттарын одуулуу олордо.

  • Сэгээр, хайа, тугу толкуйдаатыҥ?
  • Омоллоон, эн миигин сэгээр диэмэриий, ааттаахпын ээ... - Нарыйа хайдах эрэ массыына иһигэр үчүгэйдик билбэт эр киһитин кытта иккиэйэх эрэ хаалбытыттан кыбыста саныыр.
  • Чэ, Нарыйа даҕаны диэн ааттыым. Аатыҥ бэйэҕэр олус барсар дии. Наһаа нарыҥҥын, кэрэҕиҥ, - Омоллоон эрэллээхтик хардарда.
  • Махтал, - диэтэ кыыс симиктик. Чочумча чуумпу буолла. Арай, массыына араадьыйатыттан Игорь Егоров «Билбэтэҕим» ырыата кэлбитигэр, эр киһи улаатыннаран биэрдэ.
  • Мин эйиэхэ иэйиим курдук... – диэтэ Омоллоон. Кыыс маны истэн баран туох диэн хоруйдуоҕун, салгыы кэпсэтиини хайдах сайыннарыаҕын билбэтэ. Арай, музыка тыаһыгар бигэнэн, утуктаабытын, сылайбытын биллэ. Маарыыҥҥаттан айаннаа да айаннаа. Ханна эрэ тохтоон, сынньаныан, чээй иһиэн, сылаанньыйыан эрэ баҕарар... ол эрээри, эмиэ даҕаны, романтика алыптаах долгунугар куустарыаҕын ыраланар. Дьиҥинэн, кини сокуонунан холбоспут кэргэннээх дьахтар ээ! Маннык сылдьара олох табыгаһа суох, буолаары буолан иҥээҥниир соруктаах эр киһилиин киэһээҥҥи Дьокуускай устун... өссө иккиэн эрэ! Гынан баран, ис дьиҥин ылан көрдөххө, Нарыйа Омоллоону киһи быһыытынан куһаҕана суохтук ылынар, кини эйэҕэс, истиҥ сыһыаннаах, кулгааҕы манньытар, санааны аралдьытар саҥалаах. Оттон кыыс ханна эрэ, сайдыы улаханны барбатах сиригэр, кыар дэриэбинэҕэ олорор, барыларын биэс тарбаҕын курдук билэр, ким эмит биирдэ эмит кэмпилимиэн эппэт даҕаны. Арай, ханнык эмит биэчэр кэнниттэн холуочуйбут эр киһи табыгаһа суохтук хайҕаабыта буолуоҕа. Оттон Омоллоон эппит этиитэ хайдах эрэ быдан сүмэлээх, сиппит-хоппут курдук ылыннарар дорҕоонноох... ол саҥата киниэхэ кулгааҕынан ааһан, курдары сүрэҕэр киирэргэ дылы.
  • Хайа, Нарыйаа?.. Эн миигиттэн салла дуу, куттана дуу санаама. Мин эйиигин тыытыам суоҕа. Эн курдук сибэккигэ мин сэрэнэн сыһыаннаһабын, - Омоллоон Нарыйа санааларын ситэ тиһэҕэр тиэрдибэккэ, быһан кэбиспит курдук буолла.
  • Омоллоон, биһиги ханна баран иһэбитий? Наһаа ыраах буолбата ини?
  • Сэгээр, суох, чугаһаатыбыт... Кыыс бу кэмҥэ тулатын көрүммүтэ, санааларын кытта аралдьыйар бириэмэтигэр кинилэр Чочур Мыраан быарыгар чугаһаабыттар. Эмискэ, суотабай төлөпүөнэ тыаһаата. Көрбүтэ – кэргэнэ Альберт эрийэр!
  • Омоллоон! Тохтоо!!
  • Хайа, туох буолла?
  • Кэргэним эрийэр! Тохтоо, таһырдьа тахсыам этэ. Омоллоон суол кытыытыгар тохтоото. Нарыйа сып-сап таһырдьа таҕыста. Аны туран, суотабайы оруобуна ылан истэҕинэ, Альберт эрийэрэ тохтоон хаалла... «Бээ, хаттаан эрийиэххэ наада. Тохтоо, Нарыйа! Аны туран, киниэхэ туох диэн албынныыбыный? Аны олох итэҕэйбэт. Ханна баран иһэбин диибиний? Таһырдьа тыас-уус элбэх. Ээ, төттөрү массыынаҕа киирэр эбиппин уонна Катя дьонуттан таксинан айаннаан иһэр курдук кэпсиир эбиппин», - дии санаата Нарыйа уонна массыынаҕа төттөрү киирдэ.
  • Айанныах, эн саҥарыма дии, музыканы кыччат, билигин бэйэм эрийиэм, а туо успейдаан ылбакка хааллым... – кыыс төлөпүөнүн ылан кэргэнигэр эрийдэ.
  • Алуо! Туох ааттаах төлөпүөҥҥүн ылбаккыный?! Дьиэбэр кэлэн, оҕолору аһатан баран, эн хайдаххын билээри эрий да эрий, эн буоллаҕына ылан даҕаны абыраабаккын! – Альберт кыыһыра былаастаан саҥарда.
  • Бээ, уоскуй! Кыыһырыма. Катябыт эдьиийэ аварияҕа түбэстэ, балыыһаҕа киирбит. Катяны дьонугар диэри атаарыстым, онон хаалыахтаах этим даҕаны, төттөрү баран иһэбин... таксинан... – Нарыйа сымыйалаан кэбиспитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
  • Тугуй ол?! Биһиги оччо баайбыт дуо, төттөрү-таары таксинан айанныыр?! Тоҕо эмиэ атаарбыта буоллуҥ, бэйэтэ даҕаны тиийиэ этэ буоллаҕа?! Бу оттон оҕолоргор даҕаны кыһаллыбаккын дуо, тугу аһаабыттарын-суохтарын ыйыталаһар даҕаны санааҥ суох дуо бу? – Альберт төлөпүөҥҥэ улаханнык кыйахаммыта билиннэ.
  • Альберт, оттон.. Чэ, быһааран да диэн. Биллиэҕим аһа, бастаан уоскуй! Эрийиэм кэлин! – Нарыйа өһүргэммитин биллэрэн тыйыстык хардарда уонна төлөпүөнү уурда. Бу кэмҥэ кини хайдах эрэ дэлби санаарҕаата, итинник тыйыс сыһыантан уйадыйыах, ытыах-сонуох санаата кэллэ, сирэйэ-хараҕа биллэ кубарыс гынна.
  • Оо, кэргэниҥ олус күнүүһүт дуо? Манна олорон иһиттэхпинэ куолаһа кытаанах эбит. Куруутун итинник кэпсэтэр дуо? – Омоллоон итинник кэпсэтииттэн соһуйан төбөтүн быһа илгиһиннэ.
  • Ээ, кэпсээбэппин. Куруутун итинник буолбатах... – Нарыйа ситэ билэ илик киһитигэр олоҕуттан быһа тардан кэпсиириттэн туттунна.
  • Нарыйа, өйдөөтүм быһыылаах... Мин эйиэхэ тугу эрэ кэпсиибин?
  • Кэпсээ...
  • Мин ойоҕум эмиэ биир кыҥкый майгылаах дьахтар ээ. Дьиҥинэн, сокуонунан эрэ эрдии-ойохтуу курдукпут эрээри, тэйсибиппит ыраатта. Кыра кыыспыт туһугар эрэ ыал буолан олороохтуубут. Ол эрээри, баҕар, кэлин арахсар туһунан санаалар киирэллэр... – эр киһи тоҕо эрэ утары биир сири тобулу одуулаан олордо. Кыыс бу түгэҥҥэ санаатыгар Омоллоон олоҕун кыратык даҕаны буоллар, бэйэтин киэнин кытта майгынната санаата. Чахчытын эттэххэ, кини эмиэ кыар даҕаны алҕастарга куруутун куруубайдаан иһэр, кыра көстүбүт сыыһаҕа-халтыга буруйдаан, сирэй-харах анньан тахсар эриттэн сылайбыт курдук буолла... Оттон бу Омоллооҥҥо ойоҕо эмиэ оннук сыһыаннаһар, бадаҕа. Ол иһин, баҕардар кинилэри Дьылҕа Хаан көрсүһүннэртээбитэ буолуо дуу, ама? Ити эрээри, ама даҕаны буолбутун иһин, кини ыал олоҕун алдьатар санаата суох. Оччоҕо тоҕо бу романтика эйгэтин үөдүтэн, Омоллооннуун ханна эрэ онно тиийэргэ сөбүлэһэн, барсан иһэрий? Оо, Нарыйа да Нарыйа, ханнык баҕарар икки атахтаах бу орто туруу дойдуга кини бу быһыытын сыыһа диэн ырытыа, кэннититтэн саҥарыа, өссө үөҕүө. Бэл, бу маннык көстүү улахан аньыы буолара Библияҕа кытта «не прелюбодействуй» диэн сурулла сылдьар. Оттон Омоллоон туох даҕаны буолбат, кини эр киһи буоллаҕа. Туох да диэтиннэр, наһаа үчүгэйдик сылдьыаҕа. Онон, кыыс улахан сыыһаны оҥоро илигинэ, эр киһиэхэ төттөрү эргилиннэрэн, дьүөгэтин дьиэтигэр диэри илдьиэхтээҕин туһунан этэрэ оруннаах...
  • Омоллоон, миигин төттөрү илт! – үгүс санаа-оноо оонньооһун кэнниттэн, Нарыйа барытын тохтотор соруктанна.
  • Хайа, тоҕо сэгээр? Билигин тахсыахпыт, субу кэллибит.
  • Суох, төттөрү илт!
  • Нарыйаа, куттаныма, мин эйиигин тыытыам суоҕа... мин эн курдук кэрэ киһиэхэ биир кэрэ миэстэни көрдөрүөм. Бачча кэлсэн баран, баһаалыста тахсыах, мин биир көрдөһүүбүн толор, сэгээр, - Омоллоон хас эмэ күнү быһа санаабыт ырата таах халтайга хаалан эрэриттэн ыксаабыт курдук буолла.
  • Оттон мин кэргэннээхпин, эн даҕаны ойохтооххун, онон, маннык сылдьарым табыллыбат! Бэйэбин хайдах эрэ сананаары гынным, - Нарыйа чахчы ыксаабыт курдук дьүһүннэннэ.
  • Чэ, тахсабыт, саатар биир дьоллоох түгэни мүччү тутумуох, – диэн баран Омоллоон мырааны үөһээ диэки гааһын баттаан кэбистэ. Нарыйа буоллаҕына утарылаһан туох эрэ диэри гынан баран, уҕарыйан хаалла. Бэйэтин уоскутардыы дириҥник тыынна уонна үгүһү санаабакка гына санаата. Төһө даҕаны «аньыы-хара» буолбутун иһин, сүрэх баҕатын хоту сылдьыан эмиэ саныыр. Онто да суох, сотору хаарыан эдэр сааһа түмүктэниэ, сиэркилэҕэ көрөн урукку бэйэтин билбэт буолуор диэри уларыйыа. Маннык ураты, нуһараҥ түгэн үөдүйбэтэҕэ даҕаны ыраатта. Антах дэриэбинэҕэ үлэ кэнниттэн дьиэтигэр тиийэр, оҕолорун сыллаан, атаахтатан баран, хотугу тыал курдук тыйыс майгылаах, кирпииччэ курдук тимир-тамыр туттунуулаах эрин хоойугар барыаҕа. Киниттэн хаһан даҕаны, туох даҕаны «романтика» эйгэтэ кэлбэт…
  • Чэ, кэллибит, сэгээр, - Омоллоон мыраан үрдүгэр ыраас ырааһыйаҕа кэлэн тохтоото. Нарыйа эмиэ санааларыгар аралдьыйа олорон, хайдах түргэнник бу үтүө, кэрэ сиргэ тахса охсубуттарын билбэккэ хаалбыт. Иннигэр сандаархай уотунан чаҕылыспыт дьоллоох Дьокуускай куорат, улуу Туймаада хочото нэлэйэн, устата-туората биллибэт айылаахтык кэҥээн көһүннэ. Ону кытары халлааҥҥа туолбут сырдык ый толбоно уонна былыттарга кытыастыбыт кыламын суола... Аллараа ырыых-ыраах тимир көлөлөр быыкайкаан туочука уоттар буолан күлүмнүүллэр.
  • Сэгээр, эн манна хаһан эмит сылдьыбытыҥ дуо?
  • Уруут-урут устудьуоннуу сылдьан күнүскү кэмҥэ пикниктии сырыппытым быһыылааҕа... – Нарыйа, иннигэр баар талба көстүүттэн уоскуйан, таалан турда.
  • Наһаа астык көстүү дии... – Омоллоон сэрэнэн кыыска чугаһаата.
  • Наһаа-наһаа... олус... Чочур Мырааҥҥа тахсыбатах даҕаны ырааппыт эбит... Омоллоон өр кэтэспит эриэккэс түгэнэ үүнэн, санаата олус көнньүөрдэ. Аны, бу аттыгар турар таптыы санаабыт кыыһын оргууй кууһан, кыратык даҕаны буоллар сыллаан ыллаҕына, кини саҕа дьоллоох киһи суох буолуоҕун курдук... Ити эрээри, кини бэйэтин кыыстан хас даҕаны төгүл «кирдээх» курдук сананна. Тоҕо диэтэр, эр киһи эрдэтээҥҥи сылларга хаста даҕаны тапталы көрдүү сатаан, атын кыргыттарга сыстан ылбыта. Онтукаларын кытта истиҥ иэйии олохтооботоҕо. Онон, букатын даҕаны таптал диэн истиҥ иэйиини бу олоххо суох быһыылаах, ити быстах эрэ күлүм гынар санаа утаҕа эрэ быһыылаах диирэ. Бэл, устудьуоннуу сылдьан кэргэнин эдэр эрдэҕинээҕитин даҕаны кэмигэр, маннык абылаҥҥа ылларбытын өйдөөбөккө дылы. Арааһа, таптал диэннэрэ бу быһыылаах... Нарыйа мичээрэ, тугутчаан курдук көрбүт хараҕа, киһи эрэ иэйэ көрөр наһаа кэрэ сэбэрэтэ эр киһи кутун-сүрүн сайан, нохтолоох сүрэҕин кылын таарыйбыкка дылы гынар... Бу түгэҥҥэ Омоллоон Нарыйаҕа олох ыксары чугаһаабытын билбэккэ даҕаны хаалла. Киниттэн биир хардыы тэйбит кыыска утары ыксалаһан, биилиттэн кууһан ылла уонна сып-сымнаҕас уостарыттан уураата... Кыыс утарыласпакка, эр киһи эрэллээх дьайыытыгар бэринэн кээстэ... арай кини кута-сүрэ дуу, санаата-оноото дуу ханна эрэ онно ыраах халлааҥҥа көтөн хаалбытын курдук буолла... Халлааҥҥа туолбут ый кинилэри сырдатардыы сандааран турда. Икки сүрэх күүскэ битийдэ.

  • Чэ, кэллибит... – Омоллоон Нарыйаны дьүөгэтин дьиэтин таһыгар аҕалла.
  • Пока, - диэтэ кыыс симиктик.
  • Сэгээр, өссө биирдэ эйиигин сыллыым эрэ, - диэт, Омоллоон Нарыйаны өссө биирдэ уураан ылла, - хаһан көрсөбүт? Сарсын тугу гынаҕыный?
  • Сарсын буоллаҕына... сарсын буоллаҕына, сакаастарбын кэлэн ылыахтаахтар, оттон биир сакааһы тиксэриэхтээхпин.
  • Ол кэнниттэн тугу гынаҕыный?
  • Ол кэнниттэн Катялыын ресторанныах буолбуппут даҕаны, арааһа, кыыһым маннык кэмҥэ рестораннаабата буолуо. Оччотугар, тугу гынарым биллибэт. Баҕар, такси сакаастаан баран дойдулуом.
  • Мин эйиигин биир сакааскын илдьиһэн баран, биир сиргэ барыахпыт. Массыынанан кэлиэҕим, илдьиэм, арба маннык этиилээхпин - сакаастаргын барыларыгар массыынанан даҕаны тиксэртиэхпитин сөп эбит, мин ону ыарырҕаппаппын.
  • Тыый, бэрт, - Нарыйа күнү быһа сакаас ылааччылар кэлэллэрин кэтэһэн олорбот буолбутуттан хайдах эрэ иһигэр үөрэ санаата. ... Кыыс кыбартыыраҕа киирээтин, оруобуна соруйан гыммыт курдук кэргэнэ Альберт эрийдэ. «Арба даҕаны, эрийиэх буолбутум дии», - Нарыйа ыксалы кытта төлөпүөнү ыла оҕуста.
  • Алуо.
  • Дьэ, соруйан, бу эрийэргин кэтэһэн баран олоробун. Олох биһигини санаабаккын дуо бу? Кыыспыт утуйан эрэр. Уол уруогун ааҕан баран сыппыта... Ийэлэрэ ааттаах! Итиннэ тугу гынныҥ?! – Альберт кыыһырбыта өссө даҕаны ааспатаҕа билиннэ.
  • Ой, олох даҕаны умнан кээспиппин. Баһаалыста бырастыы. Күннэй утуйарыгар пижаматын кэттэ дуо?
  • Пижаматын буолбаккаҕын! Дьэ кэлэн туоһуласпыта буолан! Кэллэххинэ атын кэпсэтии буолуо! – диэт, Алберт төлөпүөнү ууран кэбистэ. «Чэ, ити хааллын», - дии санаата Нарыйа. Төһө даҕаны эрэ итинник хадаар майгытын көрдөрөн, соччото суохтук, мөҕүттэн саҥарар-иҥэрэр буоллар, бүгүҥҥү «романтичнай» киэһэ кыыспыт санаатын-оноотун ылла. Кини үөрэ-көтө, долгуйа, сарсыҥҥыны кэтэстэ, ыллыы-ыллыы таҥаһын-сабын бэрийдэ.

Сарсыҥҥы күнүгэр, Омоллоон ыйыллыбыт бириэмэтигэр үүт маҥан джип массыынанан кэлэн, Нарыйаны ылла. Үс аадырыска таҥастары тиксэрдилэр. Бу тухары эр киһи уонна кыыс бэйэ-бэйэлэрин номнуо билсибиттэрэ ырааппыт курдук, истиҥник сэһэргэстилэр. Олоххо туох көрүүлээхтэрин, мэнээх буолары-буолбаты, ускуустуба, музыка, тус интэриэс туһунан ырыттылар. Араадьыйаҕа холбоммут билэр ырыаларын батыһа ылластылар. Күлсүү-салсыы, эйэҕэстик көрсүү, эдэркээн уоллаах кыысчаан курдук уохтаах уураһыы даҕаны баар буолла.

  • Нарыйаа, мин эйиигин биир сиргэ сырытыннарыам диэбитим дии, билигин онно барыахпыт...
  • Ханна?
  • Мин куорат кытыытынааҕы оройуоҥҥа эрэстэрээннээхпин. Ол онно таһыгар хас даҕаны киһи куортамнаан олорор, караокелаах, сынньанар сирдээх ресторан «вип» дьиэтэ баар. Онно иккиэн эрэ буолан, остуолга киэһээҥҥи аһылыкпытын аһыахпыт, кыратык кыһыл вино иһиэхпит, онно музыка да, караое даҕаны баар, - Омоллоон номнуо киниэхэ чугас доҕор буола охсубут Нарыйа тырымнаспыт харахтарын утары көрдө.
  • Уаай... мин... хайыырбын билбэппин дии... – кыыс киэһээҥҥи өттүгэр оҕолорун кытта «видеовызовынан» кэпсэтиэхтээҕин саныы биэрдэ.
  • Тоҕо инньэ диэтиҥ? – Омоллоон соһуйан, хараҕын төгүрүйдэ уонна аттыгар олорор кэрэ аҥаарын сымнаҕас илиитин түөһүгэр сыһыары тутта.
  • Киэһээ дьоммун кытта видеовызовынан кэпсэтиэхтээхпин...
  • Нарыйа, а давай бүгүн төлөпүөммүтүн иккиэн араарыах, тугу барытын умнан туран, бу киэһэни бэйэбитигэр эрэ бэлэхтиэх... эн сарсын бараҕыҥ дии уонна маннык курдук үтүө түгэн хаһан көстүөҕэй? Сэгээр, мин эйиигин номнуо наһаа таптаатым дии. Эдэр уол курдук, олох эйиигин ханна даҕаны ыытыахпын баҕарбаппын. Арай, былыр эбитэ буоллар, үрүҥ аппар олордон баран ырыых-ыраах күрэтиэм этэ... - Омоллоон хараҕар элбэҕи ойуулаан көрбүтүттэн харахтара уоттаммыкка дылы буоллулар.
  • Чахчы, оннук гыныахха. Бүгүн эрэ күн баарга дылы дии! Сарсын барыам уонна эмиэ уота-күөһэ суох көннөрү олохпор үктэниэм. Эйиигин аны хаһан көрсөрүм, эйиэхэ бу курдук ыга куустаран, эн сылааскар иттэ олорорум биллибэт, - диэтэ Нарыйа. Эр киһи уонна кыыс үрүҥ джип массыына кэннигэр син өр куустуһан олордулар. Оттон таһырдьа суол кытыытыгар турар обургу тимир көлөнү дьон дьиктиргээбиттии көрөн ааһар...

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:19

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 5

ылыахпын, сылаас бэйэҕин кууһуохпун-сыллыахпын, уһун суһуоххар умсуохпун баҕардым. Олох сарсыарда эйиигин санаан уһуктабын, утуйарбар саныыбын. Бэл, кэлин маннык туруктан сылайыах курдук буолаары гынным. Оннук курдук эн мин өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыккын, сэгээр», - диэн Нарыйа суотабай төлөпүөнүн бассаабыгар Омоллоонтон сурук кэллэ. «Айаннаан иһэбин. Айанныырбар тиийэр буоллаҕым дии. Мин эмиэ ахтыбыт курдукпун ээ, эйиигин саныыртан ордубаппын... Миэхэ билигин суруйбат буол, сөп? Кэргэним суотабайбын араарбыппын иһин кыыһыра-тымта аҕай сылдьар. Уопсайынан, миэхэ маннык курдук суруктары бу күннэргэ ыытыма. Бириэмэ көһүннэҕинэ, эйиэхэ бэйэм сибээскэ тахсыаҕым», - диэн кыыс эр киһи суругар хоруйдаата... Бу кэмҥэ массыына солуонугар таптал туһунан сахалыы ырыа тыаһаата. Нарыйа түүнү быһа бэҕэһээҥҥи үтүө киэһэни санаан тахсыбытыттан сүгүн утуйбатаҕа өтөн, нарын матыыпка уйдарбыттыы, нуктаан барда.


Дьону тиэйэн испит тимир көлө дэриэбинэҕэ номнуо кэлэ охсон, Нарыйалаах олбуордарын таһыгар тохтоото. Кыыс тмассыынаттан түһэн, тиэргэнин аанын аһаары гыммыта, хайдах эрэ халҕана ыараабыкка, тыаһа-ууһа даҕаны сүрдэнэн биэрбиккэ дылы буолла... Бэл, дьиэлэрэ харааран-бороорон, тусаһа иһэ туох эрэ эстэрин кэтэспиттии иһийэн турар. Дьиэ иһиттэн оҕолорун күлсэр саҥалара, мэниктээн сүүрэр тыастара иһиллэр буолааччы этэ даҕаны, бу сырыыга киһи сэрэхичийиэх чуумпу. Кыыс хардыылыырыгар атаҕа ыйааһыннанан, кэтэ сылдьар соно ыараан биэрбиккэ дылы. Инньэ гынан, олус бытааннык, нэстик, дьиэ ыараабыт аанын аһан, иһирдьэ киирдэ. Тутатына аһыы сыт муннуга саба биэрдэ, оттон муостаҕа онон-манан кирдээх бачыыҥкалар суоллара киһи хараҕын ааллыллар. Бастаан утаа, ким даҕаны утары кэлбэтэ, иһирдьэ ким да суоҕун курдук чуумпу буолбут. Нарыйа сонун устан, оргууй үөмэн хоһугар ааһан иһэн көрбүтэ – Альберт «эһэтин тириитин кэтэн», утары дьөспөччү, ыараханнык көрбүтүнэн-истибитинэн, дьыбааҥҥа олорор эбит.

  • Дорообо... – Нарыйа оргууй ыган саҥа таһаарда.
  • Дорообо да буоллун... – Альберт олорбут сириттэн туран, кыыска утары ынан кэллэ.
  • Доҕоор, билигин мин барытын быһаарыам, – кыыс киһи эрэ буоллар куолаһын соноппокко, сэрэнэн саҥарда.
  • Дыа, төлөпүөҥҥүн арааран баран ханна сырыттыҥ?! – эр киһи Нарыйаны харытыттан күүскэ харбаан ылла уонна батарыта көрдө, онуоха, арыгыны испитин эргэрбит сыта аҥалыйда.
  • Бээ, тохтоо эрэ эн! Туох айылаах буоллуҥ? Киһини кырбаары гынныҥ дии... Мин... ити буоллаҕына... төлөпүөммүн арааран баран, сынньанарга санаммытым... – кыыс Альберт хаһан даҕаны бу маннык бардамсыйан турбутугар түбэспэтэх буолан, уйатыгар уу кириэхчэ курдук буолла.
  • Иһит эрэ, эн миигин албыннаан бүт! Мин бэҕэһээ дьүөгэҕэр Катяҕа эрийэ сырыппытым ээ. Эйиигин суох диэбитэ... ол кэнниттэн чуумпуран хаалбыта уонна төлөпүөнү ууран кэбиспитэ. Ханна сырыттыҥ!? Барытын хайдах баарынан кэпсээ! – эр киһи кыыһы илиитин көхсүтүн диэки эрийдэ уонна күүскэ хам тутта.
  • Альбе-еерт! Ыалдьар ээ миэхэ! Ыалдьар! Ыытыый, ыыттаххына биирдэ эрэ кэпсиэм! – Нарыйа ыарыытыттан ытаары гыммыт курдук куолаһынан хардарда.
  • Этиий оттон маннык даҕаны! – Альберт кыыс илиитин өссө күүскэ эрийдэ.
  • Ыытыый, ыы-ыыы!! – кыыс ытаан тоҕу барда. Кини туох диэн сымыйалыаҕын билбэтэ. Ол эрээри, бу киһи чахчы хайдаҕын туох баарынан биллэҕинэ киһини кырбыах даҕаны адьынаттаах курдук буолбутун иһин, син биир албыннаан кэпсииргэ сананна. Аны туран, маннык ыарыылаахтык илиини эрийтэрэ туран, киһи кыайан даҕаны саҥарбат. Нарын тарбахтар аһыйан, илии устун биир кэм ыарыы күүһэ сүүрэн, Нарыйа ытыырыттан ордук тугу даҕаны билбэтэ... Онтон, Альберт киһи эрэ буоллар, аһынна быһыылаах, муҥур уһугар кэлэн, ойоҕун илиилэрин төлө ыытан кэбистэ. Онуоха кыыс муостаҕа олорунан кэбиһэн, ыарыытын, үөдүйбүт соччото суох түгэн аһыытын тулуйумуна, көмүскэ уутунан сууна олордо. Оттон Альберт туох эрэ диэн иһин түгэҕэр ботугураан баран, таҥнан, таһырдьа тахсан барда.

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:24

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 6

Өрөбүл күн тиийэн тигинээн кэллэ. Дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар барыы-кэлии аҕыйаан, бэл, чуумпу сарсыарда үүннэ. Ыраах мыраан хараарбыт быарыгар күн кыламныыр сардаҥата тыган, киһи санаатын көнньүөрдэр. Нарыйа итии кофетын иһэ-иһэ, түннүгүнэн таһырдьаны одуулуу турда. Бэҕэһээҥҥи кэнниттэн дууһалыын сынньанан, сүрэхтиин сылаанньыйан, олус астык турукка ылларан сылдьар. Романтичнай киэһэлэрэ бүппүтүн кэнниттэн, Омоллоон кыыһы дьүөгэтин дьиэтигэр аҕалан биэрбитэ. Оруобуна киирбитэ – Катя номнуо кэлэн, ас астаан, бука, Нарыйаны кэтэһэ сатаан баран, киэһээҥҥи аһылыгын бэйэтэ үссэммит этэ уонна утуйар-утуйбат икки ардынан телевизорга киинэ көрө сытар этэ. Онуоха, кини биир баар суох ордук тапсар, истиҥ дьүөгэтигэр күнүн хайдах атаарбытын кэпсииригэр тиийбитэ. Катя буоллаҕына маннык кэпсээни истиэм эрэ дии санаабатах буолан, хараҕа улаатан, соһуйан эрэ хаалбыта уонна улаханнык туох даҕаны диэбэтэҕэ, арай: «Дьэ, Нарыйа, киһини соһутардаах киһи буолан биэрдиҥ», - эрэ диэбитэ.

  • Нарыйаа, үтүө сарсыарданан, - Катя дьааһыйа-дьааһыйа хоһуттан тахсан кэллэ, - хайа, кыыс номнуо тура охсубуккун эбит дуу? Такси сакаастаабытыҥ дуо? Альберт билиннэ дуо?
  • Дьэ, суох, эрдэһит бэйэтэ тоҕо эрэ хойутаата, арааһа, иһэн кээспит быһыылаах... оччоҕо дьыала хаахтыйдаҕа, миэхэ тыһыынчата эрийэ сырыппыт, үөхсүбүт суругун ыыппыт, үнтү кыыһырбыт... бу кэнниттэн киһи дьиэтигэр даҕаны барыаҕын баҕарбат... – Нарыйа санаалыын-оноолуун ханна эрэ халлааҥҥа көтө сылдьыбыт бэйэтэ, «сиргэ түстэ» уонна олох тыйыс чахчытыттан санаарҕаабыттыы дириҥник тыынна.
  • Накаас эбит дии. Оттон, хайыаххыный? Буолаахтаатаҕа... Оттон кини тоҕо саатарын наһаа элбэхтэ эйиэхэ эрийэн тахсарый? Күҥҥэ үстэ эрийдэххэ сөп ээ, кини буоллаҕына маньякальнай курдук сотору-сотору эрий да эрий. Наһаа күнүүһүт быһыылаах... – Катя төбөтүн быһа илгиһиннэ. «Катя, дьэ туох диэн Альберпын албынныырбар тиийэбиний?.. уаай, мин наһаа ынырыкпыын, наһаа соруохалаабыт курдук сананан эрэбин дии. Альберт миигин сөпкө үөҕэр. Ол эрээри, мин эрим соччото суох майгылаах ээ, истэҕиҥ Катя? Эн кинилиин олороруҥ эбитэ буоллар, куоппутуҥ ырааппыт буолуоҥ этэ... бастаан олорорбут саҕана биһиэхэ, бэл, романтика даҕаны суоҕа. Оччолортон бардам майгылааҕа биллэр этэ, дьиҥинэн. Ол даҕаны буоллар, кини бүгүрү үлэһитин, биһиэхэ олус көмөлөспүтүн иһин, махтанаммын сыллаан ылбыппын бэйэм даҕаны билбэккэ хаалбытым. Онуоха киһим миэхэ хоруйдаабыттыы, олус омуннаахтык уураан ылбыта... онтон салгыы барыта буолан хаалбыта. Быһата, улахан иэйиигэ ылларбакка, романтика диэн тугун билбэккэ, таптал уотугар умсубакка, мин киниэхэ бэринэн кээспитим, соторунан утуу-субуу оҕоломмуппут. Онтон ылата уонча сыл ааста. Дьэ, билигин кэлэммин кэргэммин таптаабат эбиппин диэн санаатым ээ... ол эрээри, мин Альберты наһаа аһынабын. Оҕолоругар эйэҕэс сыһыаннаах ээ. Куһаҕана диэн, истэҕинэ илиитин көтөҕүөн сөп. Биирдэ кулууп тэрээһиниттэн хойутаан кэлбиппэр оҕолорбут көрөн турдахтарына быдьардык хаһыытаан баран, сирэйгэ саайан сырбаппыта. Онно кини холуочук этэ. Онон, чиэһинэ билинэр буоллахха, мин киниттэн куттанабын, саллабын. Ол иһин айдаан тахсаары гыммытын сэрэйэ санаатахпына, оҕолорбун илдьэ дьоммор тиийэбин. Хата, ийэм бииргэ төрөөбүттэрбин кытта бииргэ олорор буоланнар, абыранабын... Салгыы хайыахпыный, дьиэлээх киһи дьиэбэр тиийээхтиибин буоллаҕа, оҕолорум эрэ тустарыгар оннук гынабын», - Нарыйа биир сири тобулу одуулуу олорон, дьүөгэтигэр өр сыл тухары муспут санаатын ыһа-тоҕо кэпсээтэ. Онуоха, Катя туох даҕаны диэҕин булбакка, тугу эрэ толкуйдуур курдук дьүһүннэннэ.
  • Нарыйаа, оттон омос көрдөххө, эн саҕа дьоллоох киһи суоҕун кэриэтэ этэ дии. Наһаа үчүгэй кэргэн, икки моторуспут оҕо... билигин бу олоххун, хайдах олороргун, кэргэҥҥэр сыһыанын туһунан быһа тардан кэпсээбиккэр, соһуйан эрэ хааллым. Буолар даҕаны эбит. Һуу, хата мин эн курдук кэрэ буолбатаҕым даҕаны үчүгэй эбит диэххэ. Маннык боростуой буоламмын, билиҥҥээҥҥэ диэри кимим да, тугум да суох. Онон, эмиэ даҕаны кыһалҕа аҕыйахха дылы... үлэ-дьиэ-көрсүһүү, үлэ-дьиэ-көрсүһүү...
  • Катя, барахсаным, дьүөгэм сыыһа, эн бэйэҕиҥ итинник диэ
Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:25

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 7

Дьоһун дуоһунастаах тойон киһи кэбиниэтин иһэ. Муннукка дьоҕус оҥоһуулаах, өҥнөөх тимиртэн оҥоһуллубут стрелкалаах, көмүс дуйунан кырааскаламмыт швейцарскай чаһы турар. Эркини биир гына сырдык кугас өҥнөөх улахан ыскаап, биир муннукка хас даҕаны мэндиэмэннээх стеллаж, көмпүүтэрдээх остуол, тирииттэн оҥоһуллубут дьыбааны кытта кириэһилэ тураллар, кэбиниэт үрдүнэн ураты көстүүлээх люстра эриэккэс хоһу эбии киэргэппит... Дьиҥинэн, омос көрдөххө, айымньылаах үлэлээх, ускуустуба классическай истиилин өрө тутар киһи үлэлиир хоһо диэххэ айылаах. Кэбиниэккэ биллэрдии ыксаабыт, тиэтэйбит-саарайбыт Омоллоон киирдэ. Таҥаһын ыскаап көхөтүгэр ыйаат, үлэлиир остуолугар тиийэн олордо, көмпүүтэрин холбоото. Син тугу эрэ хаһыспыта, бэчээттээбитэ буолла. Өр өтөр буолбата, санаата буолбакка, төлөпүөнүн ылан, Нарыйа “бассаабыгар” ыйаммыт хаартыскатын одуулаата, күлүгүн оргууй сыллаан ылла, онтон таһаартаабыт «статустарын» көрүтэлээтэ. Онно кыыс бастакы сырыытыгар «Миэхэ истиҥ сүбэһит наада. Наһаа хомойдум...» диэбит, салгыытыгар «дууһам ытыыр, кутум-сүрүм туоххаһыйар, хайыырбын билбэппин, барыта уустук, барыта ыарыылаах» диэн суруйбут. Эр киһи маны ааҕан баран, Нарыйаны хайдах буолбутун санаа-оноо оҥостон, ырыҥалаан, миэстэтин булбатах киһилии, кэбиниэтин устун төттөрү-таары хаамыталаата.

  • Баар эбиккин бытта! Бааргын дуу, суоххун дуу уопсайынан?! Киһи эйиэхэ наадыйдаҕына суох буолаҕыҥ! – диэбитинэн хоско Омоллоон ойоҕо Ася киирэн кэллэ.
  • Баарбын дии, туох наада буолла? – Омоллоон солото суох киһи курдук туттан, көмпүүтэригэр тиийэн төттөрү олордо.
  • Уопсайынан, биһиги аҕалаахпыт дуу, суох дуу? Кыыспытыгар эн иитииҥ эмиэ наада. Хотуой, киир эрэ, - дьахтар аан анараа өттүгэр кэтэһэн турар кыыһын үөгүлээтэ. Онуоха, кэбиниэккэ таҥаһа-саба бэрт мааны көстүүлээх, номнуо сирэйэ-хараҕа, тыҥыраҕа кырааскалаах, оҥостубут, туттубут-хаптыбыт, хороччу улаатан эрэр Омоллоонноох Ася күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох кыыстара Лара унаарыҥнаан киирдэ.
  • Привет, пап! – диэтэ кыыс төлөпүөнүн хасыһа-хасыһа, сырдык сирэйин өрө көрбөккө даҕаны.
  • Дорообо. Лара, аҕаҕыҥ кытта кэпсэтэргэ миигин көрүөххүнүй.
  • Аҕата баарын умнубатаҕар баһыыба диэххин! – Ася умайыктанна.
  • Оҕо истэн турдаҕына ол-бу диэмэ эрэ, эн!
  • Дьэ, кыыһыҥ дьыала бөҕөтүгэр наадыйан сылдьар. Ларочка, бэйэҥ эт, һыллыый, - Ася кыыһын үтэр.
  • Короче, папочка, мин дьүөгэлэрбин кытта Турцияҕа бараары гынабын, - Лара көрдөспүт, киитэрэй хараҕынан араастаан көрөн ыла-ыла, кириэһилэҕэ олордо.
  • Турция диэ? Сокуоннай сааскын туола иликкин дии! Уонна төрөппүттэрэ суох кутталлаах баҕайы буолуоҕа дии, - Омоллоон кыыһы соҕотох ыытар баҕата суоҕун биллэрдэ.
  • Оттон биһиги биир кыыспыт эдьиийэ баар буолар ээ! Кинилэри кытта барсаары гынабын, - Лара мунньаҥнаан, атаахтаан иннин ылыам диэбиттии, били «Шрек» муулчугар баар куоска курдук хараҕынан чоҕулуччу көрүтэлээтэ.
  • Ол-бу буолума, кэлин бараар! Кэпсэтии манан бүтэр, - Омоллоон мас-таас курдук батынан кээстэ.
  • Ну, паап, пожалуйста...
  • Суох диибин буолбатах дуо! – эр киһи куолаһын сонотто. Онуоха кыысчаан хараҕа уулана түстэ уонна өһүргэммитин биллэрэн кэбиниэттэн тахсан баран хаалла.
  • Дьэ, сордоох даҕаны киһигин! Абаран-сатаран түһэҥҥин, туох ааттаах буоллуҥ бу?! Көҥүлгүн биэрэн кээһиэххиний! – Ася Омоллооҥҥо ынан кэллэ.
  • Уоскуй эрэ эн! Кыыспыт наһаа атаах буолбут. Ол күн-түүн өрө барара элбээн эрэр. Суох диэтим дии, онон бүтэр, билигин миэхэ мэһэйдээмэҥ... – Омоллоон үгүс үлэни оҥорордуу туттунна. «Арба даҕаны, эн тускунан биири иһиттим ээ! Билбэтэҕэ буолуо диигин дуо? Били куорат кытыытынааҕы саҥа рестораммытыгар хайа эрэ дьахтардаах кэлбит үһүгүн дии! Өссө онно киирэн баран өр баҕайы буолбуккут, сыалай биир киэһэни атаарбыккыт! Төһө даҕаны эн миигин сөбүлээбэтэргин, ахсарбатаргын, ити курдук аһаҕастык үлэһиттэрин иннигэр миигин түһэн биэриэ суохтаах буоллаҕыҥ дии...» - Ася хайдах эрэ уйадыйан, ытамньыйбыт куолаһынан саҥарда, онтон муннута сырдырҕаан, хараҕын уута «мөл-мөл» таммалаата, сиэбиттэн былатыак таһааран көмүскэтин уутун сотто-сотто салгыы этэн-тыынан барда, - эн миигин төһө даҕаны таптаабатаргын, атын дьахталлардыын көссүүлэһэр буоллаххына, саатарын итинник аһаҕастык буолбакка, кистээбитэ буолан көссүүлэһиэҥ этэ буоллаҕа дии! Мин эйиэхэ наадата суохпун, кимиэхэ даҕаны наадата суохпун, ыы-ыыы, миигин даҕаны, бэйэҕин даҕаны эрэйдээбэккэ арахсыахха дуу, хайыахха дуу?! Ыы-ыы»… Омоллоон хайдах эрэ дууһатынан соччо арыллыбат, куруутун киниэхэ улаханнык кыһаммат, хамаандалыы сылдьар адьынаттаах ойоҕун эмиэ даҕаны иһигэр аһына санаата. Чахчы, дьахтар эмиэ сөпкө этэр ээ. Ама даҕаны буолбутун иһин, кини сокуоннай кэргэнин дьон көрүүтүгэр убаастыахтаах этэ буоллаҕа дии. Уонна оттон, иккиэн үс оҕолордоохтор эбээт. Ити эрээри, кинилэр икки ардыларыгар сылаас сыһыан сойбута быданнаата ээ, били, кылгас кэмҥэ кураанах мастар күүдэпчилэнэн баран умайан бүтэн, уостан, сойо охсубуттарын курдук, кинилэр икки ардыларыгар билигин таптал диэн иэйии суох. Бэл, доҕордуу даҕаны сыһыан хаалбатах. Ася хаһан эрэ парикмахерскайга тиийэн сиэтэн сырдаппыт баттаҕын быыһыгар күрэҥсийбит өҥ көстөр буолбут, оттон күлбүт курдук уоттаах хараҕа өлбөөрөн, сирэйэ-хараҕа биллэ сылайбыт, туохтан эрэ олус илистибит көрүҥнээҕин Омоллоон көрөн ис иһиттэн аһынна, хайдах эрэ тэҥҥэ ытаһыах-соҥоһуох санаата кэлиэхчэ курдук, куолайа бөтө бэрдэрдэ. Кырааската-самааската дэлби саккыраабыт, уу-хаар баспыт сирэйдээх ойоҕор чугаһаан, саннытыттан имэрийэн, оргууй кууһан ылбытын бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла.
  • Ася, чэ уоскуй... Оттон... бырастыы гын эн миигин. Мин эйиигин маннык чугастык ылыныа дии санаабатаҕым дии. Эн бэйэҥ даҕаны миэхэ куруутун тоҥуйдук сыһыаннаһаҕыҥ дии, мөҕөн-этэн да биэрэҕиҥ дии. Эн биһикки ардыбытыгар таптал кыыма даҕаны хаалбатах... бэл, доҕордуу даҕаны буолбатахпыт. Кыыспыт ол иһин болҕомтото тиийбэт быһыылаах. Билигин ити Турцияҕа барара кутталлаах, мин кинилиин бэйэм туспа кэпсэтэн, илэ көрсөн алтыһан бириэмэбин атаарыахпын баҕарабын дии.
  • Чэ, кууһума миигин! Аны кэлэн... – Ася Омоллоон илиититтэн босхолонон, сирэйин-хараҕын сотунна, уоскуйан эрэр курдук туттунна, - ити булсубут кыыһыҥ эмиэ быстах диэ? Хаһыс-хаһыс көссүүҥ буолла? Ээчи, уйунарыҥ, кыаҕыҥ даҕаны бэрт!
  • Мин хас биирдиилэрин кытта утуйбатаҕым ээ. Чэ, бастакыбын кытта алҕаһаабытым. Онтон истиҥ иэйиини ирдээн, сылаас сыһыаны суохтаан, аралдьыйан ылаталаабытым баар, иккитэ. Ол эрээри, утуйууга диэри тиийбэтэҕэ... Оттон билигин билбит кыыһым олох атын... мин кинини наһаа таптаатым... билинэр буоллахха... – Омоллоон төһө кыалларынан наҕыллык, уоскутардыы былаастаан саҥарда.
  • Сымыйа ини... мин эйиэхэ кэргэн тахсарбар даҕаны таптал диэни билбэккэ тахсыбытым, дьиҥинэн. Таптал диэн баар үһү дуо диэхпэр дылы. Арай, биир эдэр уолан эккирэтэр этэ, кинини сөбүлүүр курдук этим... – Ася туох даҕаны буолбатаҕын курдук уоскуйан, сиэркилэҕэ баттаҕын көннөрүнэ турда.
  • Ася, эн өйдөөх киһигин дии. Салгыы биһиги бииргэ буолар кыахпыт суоҕун бэйэҥ даҕаны сэрэйэр буолуохтааххын. Онон, улахан айдаарсыыта суох, арахсыахха... Кыыспыт улаатта. Кини иитиитигэр төһө даҕаны хойутаатарбыт, оттон син болҕомтобутун ууран, оскуоланы бүтэттэриэхпит, онтон үөрэххэ киирэригэр кыһаллыахпыт дии...
  • Һуу, хата диэ... арахсыахха. Мин туох даҕаны диэн утарбаппын. Оччоҕо төһө баҕарар таптаабыта аатыраҥҥын көссүүлэргин бэрчээкки курдук уларыта сылдьыаҥ буоллаҕа, - дьахтар хостон тахсар соруктаах аан таһыгар кэллэ.
  • Ася, бу сырыыга миэхэ олус «серъезнай» сыһыан. Нарыйам, аны, кэргэннээх… ол даҕаны буоллар, кэргэннээх киһини эмиэ биир кэргэннээх киһи иирдибэтин курдук, мин арахсарым оруннаах. Ол эрээри, кинини даҕаны араара сатаабаппын. Буорту гынан, утуйар даҕаны санаам суохха дылы... тоҕо диэтэр, мин кинини наһаа таптыыбын, дьолу эрэ баҕарабын. Ол эрээри, киһитэ олус хадаар, кытаанах майгылаах үһү. Онон, баҕар, арахсан хаалар түгэнигэр мин «көҥүл» буоларым ордук... – Омоллоон кэргэнин иннигэр хаһан даҕаны арыллыбатах бэйэтэ, дьахтары уун-утары олус дьоһуннук көрдө. Онуоха, кини боччумнаммыт дьүһүнүттэн Ася саҥата суох барда уонна хоруй быһыытынан туох диэн этиэҕин-тыыныаҕын мунаахсыйда.
  • Омоллоон, чэ, «оправдывайся» гынан бүт. Арахсыахпыт диэтим дии, мин эйиигин чуумпутук ыытабын… - дьахтар улахан туох даҕаны буолбатахтыы туттан, төбөтүн өрө хантатан, кэбиниэттэн тахсан барда. Эр киһи ойоҕо эппит тылларыттан санаата чэпчээбит, саннытыттан туох эрэ кытаанах сүгэһэр түһэн, чэпчээбит курдук сананна уонна сымнаҕас дьыбааныгар сытан, дириҥник үөһээ тыынна. Билигин барыта орун-оннугар, астык, уу нуурал буолуоҕун, аны, Нарыйа кэргэннээх. Кини хайдах даҕаны гынан, ыал олоҕун алдьатыаҕын баҕарбат эбит. Ол эрээри, хаһан даҕаны үйэтигэр көрсүбэтэх күүстээх, истиҥ иэйиитэ кини оччугуй сүрэҕин хам тутан, дууһатын кылын таарыйан, өйүн-санаатын уларытан сылдьар. Омоллоон хараҕын быһа симэн баран, Нарыйалыын сиэттиһэн алаас устун хааман иһэрин, аттыгар кини оҕолоро моторуһа сүүрэкэлииллэрин ойуулаан көрдө. Арай, кыыс киһититтэн арахсан хаалар түбэлтэтигэр, иккиэн наһаа үчүгэйдик ханнык эрэ сиргэ көһөн тиийэн, сабыс-саҥа улахан дьиэ туттан, олохторун саҥа олорон эрэр дьон курдук олоруохтарын сөп буоллаҕа. Арай, эр киһи, муҥ саатар, уон сыл эдэр буоллун? «Оо, тоҕо мин Нарыйаны эрдэ көрсүбэтэҕим эбитэ буолла? Тоҕо сорох дьон бэйэлэрин аналларын кэмигэр булан, наһаа үчүгэйдик, эйэлээхтик, үйэлэрин тухары бииргэ өйөһөн олороллоро буолла?.. Нарыйаа, тоҕо мин эйиигин эрдэ көрсүбэтэхпиний? Тоҕо?» - Омоллоон хараҕын быһа симнэ, көмпүүтэргэ тугу эрэ суруйа олорбута ыраахха диэри умнулунна. Кини кэлиҥҥи кэмҥэ барытыттан наһаа сылайда. Урбаан уустук, эриэхимэй дьыалаларыттан, күн-түүн тахса турар ол-бу быһаарыллыахтаах кыһалҕалартан ханна эрэ ыраах чуумпу, уоскулаҥ дойдуга көтөн дуу, куотан дуу хаалыаҕын санаата... онно кини Нарыйалыын бааллар уонна иккиэн сэмэй даҕаны буоллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах, киһи толору олороругар сөп түбэһэр харчылаах үлэҕэ кыттыһан үлэлииллэр... куруутун бииргэ буолаллар... Бу олорон Омоллоон кыыс били «статустарыгар» соччото суохтук суруйталаабытын саныы биэрдэ уонна ону хаттаан көрүтэлээтэ. Бу сырыыга «Курус санааттан босхолонон, көҥүл бардарбын», «Арай, кынаттааҕым эбитэ буоллар, мин мантан кый ыраах барыам эбит» диэн саҥа суруктар суруллубуттар. Эр киһи оччолооҕу ааҕан баран, Нарыйа эмиэ кинилиин ханыылыы толкуйдааҕын, туох эрэ санааҕа ылларбытын курдары таайан, тас таҥаһын кэтэн, таһырдьаны былдьаста.
  • Омоллоон Викторович, эһиэхэ дьон кэллилэр, сурук бөҕө баттаммака сытар... ханна бардыгыт? – эр киһини кэннититтэн сэкэрэтээр кыыһа үөгүлүү хаалла.

Сандал саас барахсан дэриэбинэ көстүүтүн биллэ тупсарбыт. Алаас сыһыыларга онон-манан, номнуо ньургуһуннар быкпыттар. Хараарбыт сир кырсын саһархай оһуор буолан киэргэтэн, саҥа үүммүт эриэккэс кэмҥэ туох эрэ үтүөнү, уйгулаах кэми, быйаҥнаах дьылы, дьоллоох олоҕу түстүүргэ дылылар. Омоллоон төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр үүттүү үрүҥ өҥнөөх массыынатынан көтүтэн кэллэ уонна Нарыйа үлэлиир кулуубун таһыгар хайдах кэлэн тохтообутун бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла. Тоҕо эрэ, ис иһиттэн олус долгуйан, билбэт дьон истэн турдаҕына кэпсэтиини хайдах саҕалыаҕын төбөтүгэр ырыҥалаан көрдө уонна сымсатык туттан, кыыс үлэлиир кэбиниэтин арыйа баттаата. Иһирдьэ Нарыйа уонна икки дьахтар бааллар. Кыыс көһүппэтэх доҕорун көрөн, олус соһуйан чоҕулуччу көрбүт харахтара төгүрүйдэ уонна тугу эрэ кэпсии олорбут бэйэтэ ууну омурдан кэбиспит курдук, саҥата суох «мах» барда. Түгэх диэки көмпүүтэрдээх остуолга олорор дьахтар ачыкытын түһэрдэ уонна ыйыппыттыы утары көрдө. Оттон өссө биир кэллиэгэлэрэ тугу эрэ сэрэйбиттии, миэстэтигэр олорунан кэбистэ уонна тоҕо эрэ Нарыйаны одуулаата.

  • Дорооболоруҥ, мин эһиэхэ, кулууп үлэһиттэригэр биир дьыалалаах кэллим... – диэтэ Омоллоон.

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:27

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 8

  • Дорообо... ээ, били Омоллоон Викторовичкын бытта дии? – түгэх көмпүүтэрдээх остуолтан били ачыкытын түһэрэн, соһуйа көрбүт дьахтар - кулууп дириэктэрэ Людмила Николаевна киирбит эр киһини биллэ уонна сирэйэ-хараҕа сэргэхсийэн, дьүһүн кубулуйа түстэ. Онуоха, Нарыйа өссө биир кэллиэгэтинээн киирбит киһилиин сиэр быһыытынан эмиэ дорооболостулар. Кыыспыт буоллаҕына сирэйин умса туттан, эр киһини улаханнык билбэтэх-көрбөтөх курдуктуу, көмпүүтэргэ тугу эрэ бэчээттээбитэ буолла.
  • Мин... мин буоллаҕына, ити туох... – Омоллоон Нарыйаны кистии-саба көрө-көрө, кэбиниэт түгэҕэр олорор хотуннарын аттыгар олоппоско олордо, сирэйэ-хараҕа муммут кус оҕотун курдук моһуоннанан ылла, туох диэн салҕыы саҥардыы толкуйданыллан эрэр «дьыалатын» кэпсии охсуоҕун ырыҥалыы сатыы олордо. Онуоха, Нарыйа Омоллоону көрөн күлүөх санаата киирдэ, киһитэ барахсан сымыйанан кубулунан кэлэн, тугу-тугу тобулан дойҕохтуоҕун билэр баҕаттан, клавиатураны баттыырын тохтотто уонна чуумпуран, болҕойон истээри, кэтэһэ олордо. Аттыгар баар кэллиэгэтэ Лина кыыс сирэйэ кубулуйбутун өйдөөн көрдө уонна дьэ салгыы туох буоларын күүтэн, киирбит киһи сирэйин өрө мыҥаата.
  • Чэ, быһалыы эттэххэ маннык... мин, билэргит курдук, улахан урбаанньыт киһибин. Бу дэриэбинэҕэ төрөөбүтүм, улааппытым уонна маннааҕы оскуоланы бүтэрбитим. Төрөөбүт күндү дойдум буоллаҕа. Хомойуох иһин, дьонум аҕыйах сыллааҕыта бу дойдуттан күрэнэннэр, билигин миэхэ манна таайым эдьиийбинээн эрэ хааллылар. Маны сэргэ, тастыҥ аймах сурдьуларым, балыстарым, убайдарым сорохторо эмиэ манна дьиэ туттан, тусаһа тэринэн, ыал буолан олороллор. Онон, мин бу нэһилиэккэ бэйэм кылааппын киллэриэхпин баҕарабын. Кулууп дэриэбинэбит хас биирдии олохтооҕо кэлэн сынньанар сиринэн буолар. Онон, бастатан туран, төрөөбүт дойдум сынньалаҥын киинэ туох хайа иннинэ тупсаҕай көстүүлээх тиэргэннээх буолуохтаах... дьэ, уһата-кэҥэтэ барбакка, маннык этиилээхпин. Кулууп иннитэ, билиҥҥи туругунан, кураанах курдук. Биир өйдөбүнньүк пааматынньык, аҕыйах ыскаамыйа баар. Онтон сиэттэрэн, мин бу сынньалаҥ тусаһатын өрө тардаары, саас үүнээйини олордуу кэмэ кэлбитинэн, бу күннэргэ кулууп иннигэр сибэкки арааһын олордотторуохпун санаатым. Маныаха, биллэн турар, буордары тиэйтэрэн, сибэкки олордуллар сирдэрин оҥорторон, быыһыгар сибэккилээх аарканы туруоран, киэргэтиэххэ диэн этиилээхпин. Үбү барытын бэйэм уйунуом – төрөөбүт дойдум биир кэрэ сирин тупсарарга меценатынан буолуоҕум, - Омоллоон харахтара умайыктанан, барытын иннигэр ойуулаан көрөн, субу эрэ кыл түгэҥҥэ толкуйдаабыт толкуйун барытын ыһа-тоҕо кэпсээн кэбистэ.
  • Омоллоон Викторович, наһаа даҕаны астык идея! Оннук гыныахпытын баҕарбыппыт ыраатта ээ. Онуоха үппүт олох тиийбэт буолан, уонча харыытаҕа сибэкки олордон баран бүтэр этибит. Билигин буоллаҕына, маннык үтүө этии кэнниттэн олох наһаа үөрдүм. Хата, хайдах гынан тиэргэммитин өрө тардыбыт киһи диэн толкуйдуу сылдьыбытым, - диэн кулууп хотуна үөрүүтүттэн ытыһын таһынна, - итини барытын ситиһэргэ биһиги өттүбүттэн туох нааданый?
  • Бастатан туран, эһиги баҕа санааҕыт уонна санаабыппытын суһаллык олоххо киллэрэ охсор туһуттан, үп боппуруоһун быһаарыы – симиэтэ суруйуута наада... – Омоллоон дьэ чахчы үтүө дьыаланы ылсан эрэриттэн уонна мантан сылтаан Нарыйалыын алтыһыыта элбээн биэрэриттэн сүргэтэ көтөҕүллэн ылла.
  • Нарыйа, хата, ити дьыаланы ылсаҥҥын, наадалаах матырыйаал ороскуотун быһааран баран, симиэтэни сарсыҥҥыга диэри суруйан бүтэрээр дии... – Людмила Николаевна Нарыйаны дьаһайда.
  • Людмила Николаевна, ханнык тэрилтэлэри кытта билсэр наадата буолуой? Мин хаһан даҕаны маннык дьыаланы быһаарсан көрө иликпин дии... – кыыс дьиибэ сорудахтан мух-мах буолла.
  • Ээ, мин эйиэхэ ыйан-кэрдэн биэриэхпин сөп дии, хата, - Омоллоон Нарыйа диэки хайыста уонна кинини олус истиҥник, иэйиинэн кыыспыт хараҕынан көрдө, онтон Людмила Николаевнаҕа эргилиннэ, - мин Нарыйаны билэбин, кини миэхэ сакааска наһаа астык сахалыы сон тигэн биэрбитэ, сытыы-хотуу кыыс быһаарсардаах буолуохтаах.
  • Иһиттиҥ, Нарыйа, Омоллоон Викторовичтан сүбэлэтээр.
  • Людмила Николаевна, тоҕо мин? Оттон Линалыын иккиэн хайаабаппыт дуо? – Нарыйа эмискэ киниэхэ cүктэриллибит соруктан, буолаары буолан Омоллооннуун сүбэлэрдээх үлэттэн батыныан санаата киирдэ.
  • Эс, тоҕо мин? Эн Омоллоон Викторовичтыын билсэр киһи, бэйэҥ быһаарыс ээ, мин аныгыс субуотатааҕы кэнсиэр сценарийын суруйа олоробун дии, - Лина мас-таас курдук этэн кэбистэ.  Нарыйа хайыаҕай, сылдьан эрээритин хаһан даҕаны ылсыбатах үлэтигэр түбэһэн хаалла. Эбиитин Омоллоонтон сүбэлэтэр, эмиэ алтыһар буолла. «Оодьэ, тоҕо эмиэ кини манна кэллэҕэй? Мин кинини көрүөхпүн наһаа баҕарар этим. Ол эрээри, маннык түгэҥҥэ, манна дэриэбинэҕэ, кэллиэгэлэрим харахтарыгар буолбатах...» - дии санаата Нарыйа. Кини били үнүр Альберт илиитин эрийбит түгэнин кэнниттэн хоско киирэн, сыттыгы кууһа сытан өр даҕаны ытаабыта. Онтон, уоскуйан баран, дьиэтин-уотун өрө тардан, сууйан-сотон, аһылык астаан баран, оҕолорун баран аҕалтаабыта. Киэһэ хойут кэргэнэ холуочук киирэн кэлбитэ уонна тоҕо эрэ биир даҕаны улахан этиитэ суох, утуйан хаалбыта. Арааһа, сылайбыта, икки түүнү быһа ойоҕун санаан, ханна сылдьарын, сибээһин манаан, сүгүн-саҕын утуйбатаҕа өппүт быһыылааҕа. Ол кэнниттэн, сарсыҥҥы күнүгэр оҕолор таһырдьа оонньуу тахсан барбыттарын туһанан, Альберт өр да өр Нарыйаҕа лиэксийэ аахпыта, быыһыгар саанан даҕаны ылбыта. «Өссө биирдэ ити курдук сибээстэн сүтүөҥ даҕаны, мин бэйэм тугу гынарбын билбэппин. Онуоха, бэйэҕиҥ эрэ буруйдаар!» - диэн Альберт сааммыта уонна күнү быһа саҥата-иҥэтэ суох сылдьыбыта. Кыыс, итиниэхэ, дэлби санаа-оноо буолан, эмиэ даҕаны урукку чуумпу соҕус олоҕун отуора ыһыллан эрэр сүрүн биричиинэтинэн Омоллооннуун булсубутун ааттаабыта. Онон, туох даҕаны буолбутун иһин, эр киһини умнарга, кинилиин көрсүү аны табыгаһа суоҕун туһунан ырыппыта. Төһө даҕаны кыыс эр киһиэхэ куттуун-сүрдүүн абылаттардар, ыал сиэринэн этэҥҥэ буолуутун тохтотуон, алдьатыан баҕарбат эбит. Оҕолорун аҕатын кытта эйэ-дэмнээх сыһыаны олохтоон, уруккутун курдук таптаабат кэргэнин таптаабыта буолан, истиҥэ суох сыһыаны тулуйан олорор эбиппин дии санаабыта... Ити тухары Нарыйаҕа Омоллоон чаҕылхай уоттаах харахтара, сахалыы номоҕон мөссүөнэ, кэтит санныта, уһун уҥуоҕа иннигэр көстөн кэлэ турбуттара. Кыыс эр киһи ньыгыл былчыҥнаах киппэ илиитигэр сылаастык куустаран, омуннаахтык ууратан, сэттис дуу ахсыс дуу халлааҥҥа көтөн ыларын ахтыбыта. Аны итинник эриэккэс түгэн хатыланыа суоҕуттан хараастар курдуга. Ол да буоллар, Нарыйа туох даҕаны иһин саҥа булсубут киһитин, норуокка этиллэринии «көссүүтүн» умнан кээһиэн баҕарбыта. Бүгүн сарсыарда уһуктан кини нүөмэрин сотторон кэбиспитэ уонна букатыннаахтык «сүтэрбит» курдук сананан сырыттаҕына, Омоллоон бу соһуччу кэллэ уонна эбиитин олох арахпаттыы биир дьыаланы тэҥҥэ оҥорсорго сананна.
  • Нарыйа, Омоллоон Викторовичтыын ити аттынааҕы методистар хосторугар киирэн дьыаланы быһаарсан саҕалааҥ. Манна Линалаах биһикки тэрээһин боппуруостарын быһаарсарбытыгар мэһэйдэспэт курдук, антах тахсаргыт оруннаах, - диэн эмискэ Людмила Николаевна дьаһайан кэбистэ. Нарыйа урут иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии сып-сап туттан соругу толоро охсор бэйэтэ, маҥнай утаа соһуйбуттуу хоско баар дьону ыйытардыы көрүтэлээтэ. Онтон блокноттаах уруучукатын ылаат, кэбиниэттэн тахсан барда. Кинини саппай уопсан Омоллоон батыста.

  • Нарыйа, эн туох буоллуҥ? Статустаргын көрөн, ракеталыы эйиигин көрө охсоору көтөн кэллим уонна эйиигинниин өссө биир соругу оҥорсон, аттыгар өссө сылдьа түһээри ити идиэйэбин түбэһиэх толкуйдуу охсон, хотуҥҥутугар кэпсээн кээстим уонна, хата, эйиигинниин алтыһар чиэскэ тиксэн хааллым, - Омоллоон кэбиниэккэ киирээттэрин кытта, Нарыйаҕа ыксары чугаһаат, сибигинэйдэ.
  • Омоллоон... чэ, быһата, биһиги тохтуубут. Мин кэргэннээхпин, эн даҕаны кэргэннээххин, маннык сылдьыы табыгаһа суох. Эйиэхэ көссүү буолар санаам суох, - кыыс хараҕын утары көрбөккө эрээри иһирдьэ баар остуолга олордо. Эр киһи кулгааҕа истиэн баҕарбатаҕын истэн, маҥнай утаа тугу даҕаны саҥарбата. Олоҕун бороҥ халлааныгар былыттан тахсан иһэр күнэ төттөрү киирбитин курдук, тулата барыта нүһэр буола түстэ, таһыгар биллэрбэтэр даҕаны, куттуун-сүрдүүн айманан барда.
  • Нарыйа... эс, хайдах? Сэгээр, бу курдук биирдэ эмит кистээн көрсүһүөх ээ... мин эйиигин наһаа таптаатым ээ, олох өйбүттэн-санаабыттан арахпаккын. Бу саллар сааһым, үллэр үйэм тухары, сүтэрбит аналбын дьэ булбут курдук санаммытым. Мин бу курдук биирдэ эмит эн тапталгыттан кыратык бэриһиннэрэн, сыллаан-уураан, кууһан эрэ ылыахпын саныы сылдьыбытым. Эн миэхэ быстах буолбатаххын. Мин эн таскар олус дьоллооҕунан ааҕынабын дии... Оттон, эн миигин быстах дии саныыр буоллаххына, быстах буоллаҕым, оччотугар... хайдах гынан хара күүспүнэн сөбүлэттэриэхпиний?... Омоллоон салгыы туох диэн этиэҕин-тыыныаҕын, санаатын тиэрдиэҕин билбэккэ, саҥата суох чуумпуран хаалла. Арай, тулата барыта самнан, алдьанан, күлүгүрэн эрэргэ дылы хараҕын иннэ харааран ылла. Бэл, мэйиитэ эргийдэ, сүрэҕэ ыарыйбахтаата, хаһан даҕаны ытаабатах хараҕын уута «мөл» гына саккыраан кэлбитин кистии тутунна, умса көрдө. Буруйдаах оҕо оҥорбут дьайыытыттан сылтаан ытамньыйан эрэр оҕолуу сыҥсыйыахча курдук буолла. Онтон, эр киһиэхэ маннык быһыы мөлтөх буолууну мэктиэлиирин санаан кэлэн, тохтоото уонна Нарыйа сирэйин-хараҕын кэтээн утары көрдө. Кыыс буоллаҕына эмиэ сүөм түһэн, санньыйбыт, дууһата туохтан эрэ моруу буолбут курдук көрүҥнээх. Кини эмиэ санааҕа ылларбыта тута биллэр. Онон, эр киһини олох утары көрбөккө олордо, уруучукатын ылан, суруйардыы оҥоһунна.
  • Туохтан саҕалыыбыт? Ханнык тэрилтэлэр өҥөлөрүнэн туһанабыт? – Нарыйа соруйан боччумнаммыт көрүҥнэннэ, бэл, куолаһын уларытта.
  • Эн ити туһунан долгуйума, начаас оҥоруллуо ити сметаны... сэгээр, миигин көрүүй. Утары көрүүй, баһаалыста. Эн чахчы миигин кытта сыһыаҥҥын түмүктүүр буоллаххына, утары харахпын көр уонна итинник диэн эт... – Омоллоон олоппоһун сыҕарытан, кыыска чугаһатта.
  • Омоллоон Викторович, дьыалабыт эрэ туһунан кэпсэтэбит... атыны билигин кэпсэппэппит, - Нарыйа хайдах эрэ бөтөн эрэр курдук куоластанна.
  • Чэ, сөп... бастаан оройуоннааҕы тутуу тэрилтэлэригэр эрийтэлээ, сибэкки олордуллар сирин эргимтэтин билиитэлиир сыаналарын ыйыталас, онтон тутуу маҕаһыыннарыгар эрийэн матырыйаалгын ыйыталас. Ол быыһыгар мин билэр дьоммуттан ыйыталаһыам, куораттан даҕаны киллэртэриэххэ сөп, дьиҥинэн. Ити кэнниттэн, хара буору, кумаҕы тиэйиини быһаарсыахпыт. Дьиҥинэн, бэйэм быһаарсан баран эйиэхэ симиэтэни начаас оҥорон ыытыам... Сэгээр, оттон билигин, мин диэки көрүүй. Дьыаланы туора уур... – эр киһи кыыһы илиититтэн ылла. Онуоха, Нарыйа илиитин төттөрү ылан кэбистэ. Оттон эр киһи олоппоһунан олох сыһыары чугаһаата уонна бастаан таптыыр киһитин одуулаамахтаата, кыыс чэчэгэйиттэн биир сүүмэх баттах түспүтүн олус долгуйа, истиҥник иэйэ көрдө. Маҥан иэдэс уонна биир дьиибэтик эриллибит будьурхай сурааһын ыллыа да суох сүрэҕи ыллатыах айылаах курдук эбит. Кыыс бу кэмҥэ эр киһи чугаһаабытыттан куотан, миэстэтиттэн туран кэллэ уонна түннүккэ тиийдэ.
  • Омоллоон, чэ, сөп буолуо. Мин эйиэхэ эттим дии, бүтэбит диэн. Мин олохпун аймаама, бэйэҥ даҕаны олоххун аймаама...
  • Сэгээр, эн итинник диэмэриий, хайдах да эйиигин сүрэхпиттэн киэр ылан быраҕар кыаҕым суох. Көрүүй, мин диэки, уонна бу иннинэ эппит этиигин хаттаан эт. Оччоҕо биирдэ эрэ итэҕэйиэҕим, - эр киһи кыыска ыксары кэллэ.
  • Омоллоон, баһаалыста тохтуох, аһары бара иликпитинэ тохтуохха... – Нарыйа өссө даҕаны утары көрбөккө нэһиилэ саҥарда уонна салгыы таһырдьаны одуулаабыта буола турда.
  • Мин маннык сонуннаахпын, ойохпуттан арахсар буоллум, кини даҕаны сөбүлэстэ. Мин кинини хаһан даҕаны таптаабатаҕым даҕаны ээ. Ол эрээри, хара күүспүнэн эйиигин эргиттэн араҕыс диир кыаҕым суох. Гынан баран, эн харахтарын олох атыны кэпсииллэр. Кини эйиэхэ сыһыана тыйыс, тымныы буолара биллэргэ дылы... – Омоллоон кыыһы сэҥийэтиттэн ылла.
  • Көрдөһөбүн, баһаалыста... – Нарыйа эр киһини утары көрбөтө, ол эрээри, харахтарын быыстарыттан дьэп-дьэҥкир көмүскэ уута быган кэлбитин, эр киһи оргууйдук ытыһынан сотто. Омоллоон бу түгэҥҥэ кыыһы синньигэс биилиттэн кууста уонна дьэдьэн курдук тэтэркэй уостарыттан уохтаахтык уураата. Онуоха, кыыс сылаас сыһыан, нарын таптал суоһугар бэринэн кэбистэ. Ахтыспыт сүрэхтэргэ бэлиэ буолан, түннүк нөҥүө көстөр өндөл халлаан үөмэхтэспит былыттарыттан чаҕылхай күн тахсан, сандаара тыкта. Аптаах таптал кутаатыгар умсан, куустуһан турар дьоҥҥо эмискэ Лина киирэн кэллэ... Маныаха, Омоллоонноох Нарыйа тэйсэ түстүлэр, онтон кыыс кэллиэгэтэ түбэспит соһуччу хартыынатыттан чочумча саҥата суох дөйөн турда уонна туох диэҕин булбакка, ааны сабан тахсан барда.

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:28

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 9

Лина тугу көрбүтүн бэйэтэ даҕаны итэҕэйбэккэ, бэрт ыксаллаахтык туттан-хаптан, үлэлиир хоһугар киирэн кэллэ.

  • Лина, хайа туох буоллуҥ? – Людмила Николаевна төттөрү киирбит кэллиэгэтин дьиктиргээбиттии ачыкытын түһэрэн, сүүһүн аннынан көрдө.
  • Ээ, суох... дьоҥҥо мэһэй буолбаппын диэтим, - Лина дириҥник тыынан баран, салгыы көмпүүтэргэ үлэлээн бачыгыратта. Ол тухары Нарыйалаах Омоллоон ыксары куустуһан баран, оргууй уураһа тураллара хаста даҕаны хараҕын иннигэр аалыҥнаата. Линаны хотун дьиибэргээбиттии одуулаан ыла-ыла, эмиэ бэчээттээн тигинэтэ олордо. Сотору кэминэн кэбиниэккэ Нарыйа киирдэ. Бэрт сэргэх көрүҥнээхтик мичиҥнээн туттар бэйэтэ, хайдах эрэ уостан хаалбыт, хараҕынан утары буолбакка, сири көрүтэлиир, сирэйин умса туттар. Онтон Лина таһыгар кэлэн турда.
  • Лина, начаас тахса сылдьабыт дуо?
  • Давай, тахса сылдьыахха. Таһырдьа тахсыахха, таарыччы табаахтыам. Кыргыттар иккиэн саҥата-иҥэтэ суох таҥастарын кэтээт, суксуруһан таҕыстылар. Аара тугу даҕаны улаханнык кэпсэппэтилэр. Нарыйа буоллаҕына, буруйдаммыт оҕо курдук сирэйин умсары туттан, кэллиэгэтин кэнниттэн саппай уопсан истэ. Таһырдьа таҕыстылар. Бу кэмҥэ, кулууп утары турар Омоллоон массыынаны тиэтэйбиттии-саарайбыттыы, турар сириттэн хоҥуннаран, иннин хоту айаннаата... Лина массыынаны одуулуу-одуулуу «Море» диэн суруктаах хахтан уп-уһун унаарыйбыт синньигэс табааҕы хостоото, уотун уматынна.
  • Так-так, дьэ миигин шоктаан кэбистиҥ, Нарыйа, - диэтэ кыыс кэллиэгэтэ табаах буруотун соппойо-соппойо, онуоха чорбойбут уоһа толлойон, эбии улааппыкка дылы буолла.
  • Дьэ, чахчы, соһуттум быһыылаах, - Нарыйа туох диэн кэпсиэҕин билбэккэ, сири умса көрөн, тэпсэҥнии турда.
  • Оттон... сылдьыҥ ээ, мин хайыахпыный? – Лина кыыһы уоттаах, сытыы хараҕынан көрдө, - оччоҕо эйиэхэ ити Омоллоон Викторович көссүү буолла диэ?
  • Суох... итинник диэмэриий... эмиэ да оннук... билбэппин... – кыыс туох диэн быһаарыаҕын билбэккэ, хараҕа төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ.
  • Нарыйааша наша, чэ, эн миэхэ эрэн, мин кимиэхэ даҕаны этиэм суоҕа. Эн улахан киһигиҥ дии, хайдах сылдьаргын, тугу гынаргын бэйэҥ билэҕиҥ буоллаҕа... А так, хаһааҥҥыттан сылдьан саҕалаабыккытый Омоллооннуун? – Лина мэник харахтара өссө уоттанан-күөстэнэн биэрдилэр.
  • Линка, улаханнык саҥарыма, тссс... – Нарыйа ким эрэ истиэ диэбиттии, ыйар тарбаҕын айаҕар чугаһатта.
  • Ээ, ким даҕаны истибэт, бэйэбит эрэ баарбыт дии, кэпсээ чэ, - Лина бэрт интэриэһинэй устуоруйаны истэрдии, бэлэм турда. Онуоха кыыспыт кэллиэгэ дьүөгэтигэр эрэнэн, хайдах эрэ кистии сылдьыбыт кистэлэҥин кэпсиир баҕата баһыйан, өрөөбүт уоһун өһүлэн, хоммут уоһун хоҥнорон, бу күннэргэ буолбут үтүө түгэннэриттэн быһа тардан кэпсээбитин, кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Ол аайы Лина хараҕа кэҥээн, соһуйбута, сөхпүтэ бэрдиттэн сирэйэ уһаан истэ.
  • Линкааа, дьүөгэм эрэ буолларгын, баһаалыста, кимиэхэ даҕаны тугу даҕаны быктарыма дии? – Нарыйа кэллиэгэтин диэки ааттаспыттыы көрдө.
  • Кэниэһинэ, миэхэ 100% эрэниэххин сөп, - син уһун, кэрэхсэбиллээх устуоруйаны истэн турбут киһи эрэллээх буоларын биллэрэн, кыыһы саннытыттан таарыйда уонна сирэйин тоҥхох гынан ылла, - оттон кэлин уһугар туох буолуоҕай? Альбертыын арахсаары гынаҕыҥ?
  • Ыйытыма... арай, мин кинини таптаабаппын. Алҕаска кэргэн тахсыбыппын быһыылаах дии саныыбын, - Нарыйа үөһэ тыынна.

Омоллоон таайын дьиэтигэр айаннатан тиийдэ. Олбуорга киирэн баран, хаһан эрэ оҕо сааһа ааспыт тиэргэнин биир гына сыныйа көрдө, дьиэ эркинин хас биирдии маһын одуулаамахтыы турда. Ити тухары, кулуупка Нарыйалыын аптаах түгэҥҥэ баһылатан ылбыт түгэнин санаата. Оо, тоҕо эмиэ кини кыыһы ураан кэбиспитэ буолуой? Билигин кэллиэгэтэ кинини туох эрэ дии санаата буолла? «Нарыйам арааһа сөпкө этэр быһыылаах миигин умун диэн. Манна кэлэн, өссө ити дьыалаҕа ылсан, бэйэбин туттуммакка сыллаан-уураан кээһэн... сэгэрим сыыһын дьылҕатын алдьатыахпын баҕарбаппын ээ, дьиҥинэн. Мин кинини наһаа таптыы санаатым, хайдах эрэ олус истиҥник, күүскэ. Маннык иэйиигэ ыллара илик буоламмын, бэйэбин бэйэм кыатына туттуммаппын эбит. Нарыйам туһунан куһаҕан сурах тарҕаннаҕына, мин бэйэбин бэйэм бырастыы гыммаппын. Мин туспунан тыл-өс барбыта ыраатта, онон, мин син биир туох даҕаны буолбаппын. Оттон Нарыйам? Мин ып-ыраас чэчигим, сып-сырдык дууһалаах сэгэрим хайдах буолуоҕай?.. Кини олоҕун алдьатыахпын баҕарбаппын ээ дии... ол гынан баран, эмиэ даҕаны кинитэ суох аҥаарым суохха дылы...» - диэн саныы-саныы, Омоллоон сиэдэрэй оһуордаах беседкаҕа олордо.

  • Хайа, Омоллоон, һыллыый, эн кэлбит эбиккин дуу? – дьиэ иһиттэн биэдэрэ тутуурдаах таайа тахсан кэллэ. Көтөн түспүт толкуйдарга баһыйтаран, киһини ыыппат дьикти иэйиитин туһунан ырыта олорон, оҕонньор үөгүүлүүрүттэн өйдөнөн, Омоллоон «сиргэ төттөрү» түстэ. Сүүрэн тиийэн таайыгар көмөлөстө, туох соруктаах кэлбитин сэһэргээтэ. Иһирдьэ киирэн баран, остуол тула олорон, чугас аймахтарын кытта ирэ-хоро кэпсэттэ, сылаас чэйи истэ. Ол быыһыгар тэйиччиттэн куораттааҕы үлэтин боппуруостарын быһаарда.
  • Хайа, нохоо, бириэмэ ыраатта, манна хонор буоллаҕыҥ дии? – диэтэ кырдьаҕас саҥаһа Маанньа хотун. Инньэ гынан, Омоллоон бу түүн төрөөбүт дэриэбинэтигэр хонор чиэскэ тигистэ. Бу санаатахха, субу курдук сылаастык-сымнаҕастык, уоскулаҥнык сылдьыбатаҕа, хонон-өрөөн ааспатаҕа ырааппыт эбит... эр киһи хайдах эрэ оҕо сааһыгар төннөн ылбыт курдук сананан, дьиэлээх дьон бэлэмнээбит оронноругар сытаат, сылайбыта өтөн, утуйан хаалла... ...Арай, түүһээтэҕинэ, дьиэ аанын ким эрэ кэлэн олус күүскэ тоҥсуйар. Дьиэлээх хаһаайыттар куттанан халҕаны арыйбакка турдахтарына, Омоллоон тиийэн туоһулаһаары гыммыта, аан тутааҕын төлө тардан, уордайыаҕынан уордайан, кыыһырыаҕынан кыыһыран, Нарыйа кэргэнэ Альберт көтөн түһэр. Эбиитин илиитигэр икки уостаах саалаах. «Дьэ, бэйикэй, атын киһи ойоҕун иирдэр дьаабы киһи эбиккин! Эйиигин кыыл курдук саанан ытан өлөрөн эрэ кэбиһиэххэ наада!» - диэн саанан тириир. Омоллоон, онуоха, туох даҕаны диэн куотуммакка, саҥата суох утары көрөн турар. Анарааҥҥыта өссө бууһа кыйаханан, уоттааҕынан тобулута көрөн баран маннык диир: “Сибилигин малгын хомун уонна бар! Уонна бу дойдуга хаһан даҕаны кэлимэ!” Бачча үлүгэри көрөн туруо дуо, эр киһи кууркатын кэтэн, киирбит киһини куттанан хаптаҥнаан ыла-ыла одуулуу турар таайын уонна саҥаһын кууһан ылан баран, аан диэки үктэнэн иһэн, түүлэ быстан хаалла. Эр киһи ийэ-хара көлөһүнэ тахсан, дэлби аҕылаан, уутун быыһыгар ынчык-бөтүөх бөҕө буола сытар эбит.

Нарыйа сарсыҥҥы күнүгэр, сарсыарда эрдэ уһуктан, оҕолорун бэрийэн, биирин уһуйааҥҥа, иккиһин оскуолаҕа атааран баран, сарсыардааҥҥы аһылыгы кэргэнин Альберты кытта үссэнэ олордулар. Уу-чуумпу буолуоҕун, тэлэбииһэргэ сахалыы ханаал көстөр. Эр киһи төбөтүн өрө хантатан баран, ону көрөр.

  • Бүгүн хаска бүтэҕиҥ? Сөпкө кэлээр эрэ! Эбэтэр, эмиэ төлөпүөҥҥүн арааран кэбиһэҕиҥ дуу? – Альберт күөх экрантан хараҕын араарбакка эрээритин ыйытта.
  • Алтаҕа бүтүөҕүм дии... – Нарыйа, хап-сабар, хоруйдаата уонна түннүк нөҥүө ыраах көстөр Омоллооннох кырыыһаларын одуулаата.
  • Оҕону мин ылабын дуо?
  • Эн даҕаны ылаар. Мин эрдэ кэлэн, ас астыам этэ. Салгыы, улахан кэпсэтии тахсыбата. Кыыс туран хомунна, таҥынна, кыратык сирэйин-хараҕын оҥосто сиэркилэҕэ көрүнэ турдаҕына, кэннититтэн Омоллоон кэлэн кууһан ылла.
  • Нарыйаанам, эн биһикки таптал уотугар умсубатахпыт ыраатта дии? Тоҕо миигиттэн куота, ыраата, тэйэ сылдьар киһи курдук туттаҕыный?
  • Алик, ыыт, мин ыксыыбын, хойутаан эрэбин, - Нарыйа Альберт кууһарыттан босхолоно сатаата.
  • Хайа? Оттон мин эйиэхэ эр буолбатахпын дуо?! Таптаһыах тустаахпыт буоллаҕа? Эбэтэр били үнүргэттэн өһүргэммитэ аатыран, тыыттарбат даҕаны буолан хааллыҥ дуу?! – Альберт кыыһы күүскэ хам тутта уонна орон диэки состо... ...Барыта бүппүтүн кэннэ, эр киһи туран, начаас үлүгэр таһырдьа ыстанна. Бука, үлэтин диэки куйаарда быһыылаах. Нарыйа буоллаҕына, ойох быһыытынан «оруолун толорон» баран, ис иһиттэн хайдах эрэ ытыах санаата кэллэ. Кини бу сытан, олох илэ-чахчы Альберты таптаабатын биллэ. Кини сыттыын-сымардыын, туттардыын-хаптардыын, куруубай майгытынан даҕаны Омоллоонтон олох атын, «ыраах» эбит. Ол курдук, киһитэ хадаар, толоос уонна истиҥэ суох. Бэл, кинилиин сылаастык куустуһан олорбуттара, мэниктии-мэниктии күлсүбүттэрэ даҕаны суоҕун кэриэтэ. Уонча сыл анараа өттүгэр кыыс олоҕу улаханнык билбэтэ бэрдиттэн даҕаны буолуо, романтика уонна дьиҥнээх таптал диэн сымыйа дии саныыра, ханна эрэ кинигэҕэ, киинэҕэ эрэ көстөр «көрүнньүк» курдук ылынара... ол иэйиини билигин кэлэн, дьэ блэн эрдэҕэ. Нарыйа үлэтигэр хойутаан тиийдэ. Арай көрбүтэ, кулууп иннигэр Омоллоон массыыната кэлэн турар. Кыыс иһигэр таптыыр доҕорун көрүөҕүттэн эмиэ даҕаны үөрэ санаата, эмиэ даҕаны кыбыстынна. Кини тоҕо кэлбитин туһунан төбөтүгэр араас барыйааннары саныы-саныы кэбиниэккэ киирэн кэлбитэ, Омоллоон дириэктэри кытта кумааҕы илииһигэр тугу эрэ уруһуйдуу олороллор эбит, оттон Лина көмпүүтэригэр олорон, номнуо клавиатураны тоһугурата олорор.
  • Дорооболоруҥ.
  • Дорообо, - киирбит киһини бары эҕэрдэлии тоһуйдулар.
  • Хайа, Омоллоон Викторович, эһиги куораттаабатаххыт дуо? – Нарыйа эр киһи диэки көрбөккө эрэ ыйытта.
  • Барбатаҕым. Бүгүн дьыалабытын хайаан даҕаны бүтэрэргэ сананныбыт, бу хайдах буолун сөптөөҕүн быһаарса, макеты уруһуйдуу олоробут.... – Омоллоон Нарыйаны истиҥник көрөн ылла. Лина номнуо кинилэр кистэлэҥ сыһыаннарын билэр буолар, туораттан сирэйдэрин-харахтарын, тутталларын-хапталларын кистээн көрө олордо. Дьэ, ол курдук, бүгүн күннээххэ дэриэбинэ кулуубугар өссө биир саҥа үлэһит эбиллибитин курдук буолан хаалла. Бэҕэһээ ситэри быһаарсыллыбатах симиэтэлэрин Нарыйалыын түмүктээтилэр, онтукаларын Людмила Николаевна көрөн, илии баттаан баран, файлга укта. Сотору буолаат, кулууп хотуна таһырдьааҥҥы чараас сонун кэтэн баран: “Мин хонтуораҕа баһылыкка бардым. Омоллоон Викторович, барсыбаккыт дуо?” – диэтэ.
  • Ээ, барбат инибин, манна кыратык олоро түһэн, кофелаан баран, куораттыам, - диэн Омоллоон хоруйдаата. Людмила Николаевна тахсан бараатын, хаалбыт үс киһи, Нарыйа, Омоллоон уонна Лина үөһээ тыыннылар.
  • Чэ, наша сладкая парочка, кофелыахха, - диэтэ Лина сэргэхтик туттан-хаптан.
  • Сладкая диэ? Бэҕэһээ биһигини көрөн кээстиҥ ээ? – диэн Омоллоон Нарыйа диэки көрөн мичиҥниир.
  • Чэ, наһаа даҕаны сладкая парочка буолбатар... Баһаалыста, ол туһунан кэпсэтимиэх... – Нарыйа киһи эрэ буоллар, кыбыстан, сирэйин кистиирдии тутунна. Сылаас кофены иһэн баран, Омоллоон бараары хомунна, онуоха, Нарыйа кинини аан айаҕар диэри атаарда. Бу сырыыга иккиэн бэйэ-бэйэлэриттэн арыый тэйиччи турдулар. Эр киһи эмиэ алҕаска сыллаан ыллаҕына, ким эрэ эмиэ түбэһэ көрөрө бу сырыыга табыгаһа суох буолуоҕа. Бары Лина курдук эрэллээх буолуо суохтара... Омоллоонноох Нарыйа бэйэ-бэйэлэрин харахтарынан истиҥник көрсөн ылыллар.
  • Пока... – диэн Омоллоон нэһиилэ саҥарда уонна бу утары турар таптыыр доҕорун ыбылы кууһан, сыллаан-ууруон санаата даҕаны, туттунна, илиитин эрэ көтөҕөн быраһаайдаста.
  • Көрсүөххэ диэри... – Нарыйа эмиэ утары сүүрэн тиийэн сылаастык куустарыан саныыр даҕаны, билигин табыгаһа суоҕун билэр буолан, сирэйин умса туттунна. Омоллоон оргууйдук ааны сабан тахсан барда.

Людмила Николаевна дьаһалта дьиэтигэр хайдах эрэ ыксаабыттыы туттан-хаптан, ачыкытын көннөрө-көннөрө сүүрэр-сүүрбэт икки ардынан хааман-сиимэн кэллэ. Киирдэ киирээт урут-уруккаттан булсар дьүөгэтигэр, бэрт мааны көрүҥнээх, орто саастаах, толору эттээх-сииннээх буҕаалтыр дьахтар хоһугар киирэн кэллэ.

  • Хайыа, дьүөгээ, бу хантан аҕылаан-мэҕилээн кэллиҥ? – дьүөгэтэ киирбит киһини соһуйа көрдө.
  • Дьэ, дорогая, мин улахан сонуннаах кэллим. Бэҕэһээ кыргыттар кэпсэтэллэрин иһиттим... – диэтэ Людмила аҕылыырын быыһыгар.
  • Ханнык кыргыттар? – буҕаалтыр сирэйэ-хараҕа турбут, тугу эрэ кэпсии-ипсии охсоору ыксаабыт киһини өрө мыҥаата.
  • Дьэ, буолар даҕаны эбит. Кимиэхэ даҕаны кэпсээбэт буоллаххына, кэпсиим... – Людмила Николаевна дьүөгэтин таһыгар олордо.

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:29

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 10

Дэриэбинэ барахсан хойукку сааскыта сайыҥҥыга бэлэмнэнэн, айылҕата биллэ тупсан, чыычаах ырыатынан-тойугунан, оҕо-аймах саҥатынан-иҥэтинэн туолан турар. Күн киэһэрэн, өрө тэбэ сылдьар бэйэлээх, оройунан көрбүт эдэр ыччат оонньуу-көрүлүү, дьаарбайа тахсан, үгүс сиртэн бэтиэхэлээх күлсүү-салсыы иһиллэр. Маннык үтүө, сэргэх үгэҥҥэ, арай, Нарыйа эрэ ураты чуумпу, сыһыана суох буолан көстөр курдук. Кини кэлиҥҥи күннэртэн сылтаан, кута-сүрэ айманарга дылы, оттон өйө-санаата ыанньыйан, араас толкуйга аралдьыйан, аттынан ааһан иһэр дьоҥҥо-сэргэҕэ, күлбүт-үөрбүт эдэр оҕолорго даҕаны кыһаммат. Хаарыаны, кинилэр курдук туох даҕаны кыһалҕата суох мэниктии, күлэ-үөрэ сылдьыбыт киһи баар ини! Кыыс дьиэтин диэки салайар уулусса устун, бэрт бытааннык, тиэтэйбэккэ-саарайбакка хааман истэҕинэ, төлөпүөнэ тыаһаата.

  • Истэҕиҥ дуо?! – төлөпүөн анараа өттүгэр Альберт тоҥкуруун куолаһа иһилиннэ.
  • Истиминэ. Туох буоллуҥ? – Нарыйа эр киһи биллэ уларыйбыт саҥатын истэн, дьаарханна.
  • Оҕолору дьоммор илтим. Дьиэҕэр кэлэ оҕус! Кэпсэтии баар... – диэт, төлөпүөнү ууран кэбистэ. Нарыйа Альберт куолаһа соноон, күөмэйэ көбүөлээн саҥарбытыттан, этин сааһа аһыллыбыт курдук буолан ылла. Тулата барыта бороҥ өҥнөммүт курдук, бэл, халлаан саҕаҕар чугаһаабыт күн былыт кэннигэр саста. Оттон били күлэ-үөрэ сылдьыбыт ыччаттар саҥалара-иҥэлэрэ, күлсүүлэрэ ыраатан хаалбыт курдук буолла. «Бу киһи эмиэ туох буолбут буоллаҕай? Тоҕо сүбэлэспэккэ эрээритин оҕолорбутун дьонугар илтэҕэй?..” – Нарыйа сэрэхэчийдэ. Хаһан эрэ, маннык курдук, биирдэ, Альберт эмиэ төлөпүөннээн баран саҥарбыттааҕа. Ол күн кыыс кулуупка биир тэрээһиҥҥэ тардыллан хаалбыта. Муҥ саатар, үҥкүү-битии буолбутугар дьонтон хаалсыбакка, дьүөгэлэрин кытта аҕыйахта үҥкүүлээбитэ. Онтон бытаан музыка тыаһаабытыгар, бииргэ үөрэммит уола ыҥырбыта. Тоҕо эрэ ону олус интэриэһиргээбиттии Саргы диэн кылааһынньыссата кэтээн көрбүтэ. Ити кэнниттэн, дьиэтигэр син арыый кэмигэр тиийиэҕин, арыгыны испит дьону кытта бадьыыстаһыы, ньаҕайдаһыы буолбутугар, кулууп дириэктэрэ полицияны ыҥыран кэбиһэн, бириэмэ дэлби ыраатан хаалбыта. Инньэ гынан кыыс олус хойутаан, дьиэтин үс аҥаар чаас диэки булбута. Онно Альберт эһэтин тириитин кэтэн, кэтэһэн олорор этэ. Аҕыйах тылынан быһаарсаат, бииргэ үөрэммит доҕоругар күнүүлээн, аан бастакытын Нарыйаҕа илиитин көтөхпүтэ. Эр киһи киитэрэй быһыылаах этэ, биирдэ-иккитэ илиигэ-атахха биэрээт, быарга охсубута. Сирэйин олох таарыйбатаҕа. Онтон салгыы илиитин өндөтөн иһэрин көрөөт, кыыс сыыһа-халты туттан, куотан тахсыбыта уонна ийэтин аахха сүүрбүтэ. Бу кэнниттэн Нарыйа арахсыыга сайабылыанньа биэрбитин Альберт бырастыы көрдөһөн, хаһан даҕаны итинник гыныа суох буолан, эйэлэспиттэрэ... Оттон бүгүн туох буолбут буоллаҕай?.. Нарыйа ыараханнык, бытааннык хардыылаан дьиэтин тиэргэнигэр кэлэ охсубутун билбэккэ даҕаны хаалла. Иһирдьэ саала уота умайан турар, түннүк сабыытын нөҥүө Альберт күлүгэ көстөн баран, сүтэн хаалла. Кыыс, били оҕо сылдьан сиэбигэр хатырык уктарын санаан кэлэн, мас саһааныттан тиийэн ылан баран, халлаан диэки хайыста: “Айыым Таҥарам, баар эрэ буолларгын, бүгүҥҥү киэһэм этэҥҥэ аастын”, - диэн көрдөстө уонна дьиэ ааныгар кэллэ. Сүрэҕэ тугу эрэ сэрэйбит курдук бип-битигирэс. Онтон, хайыаҕай, дьиэтигэр кэлбит киһи ааны арыйан, оргууй иһирдьэ киирдэ.
  • Дорообо... – Нарыйа киирээт, маҥнайгынан дорооболосто. Онуоха, байааттаҥныы-байааттаҥныы, сирэйэ-хараҕа дэлби кытаран хаалбыт, уоттааҕынан дьөспөччү көрбүт Альберт, кэҕэрдэн ыла-ыла, хараҥа күлүгүнэн сабардаан, утары кэллэ.
  • Хайа туох буоллуҥ? Туох буолан эмиэ арыгылаатыҥ?! – Нарыйа киһи эрэ буоллар, сытыытын-хотуутун киллэрэн, чобуотук саҥарда.
  • Мин диэ?... Ээ мин итирдим. Көр эрэ мин диэки! – эмискэ эр киһи куолаһын сонотто. «Бар, утуй! Миэхэ чугаһаама», - кыыс иһирдьэ киирэн, хоско ааста уонна оргууй күннээҕи туттар малын-салын хомунан саҕалаата, ааны иһирдьэттэн хатана оҕуста.
  • Хатанан даҕаны диэн, миигиттэн син биир куоппаккын... – Альберт хатаммыт аан таһыгар кэлэн ыараханнык тыынара иһилиннэ. Маныаха, Нарыйа хайдах даҕаны, туох даҕаны буолбутун иһин, бу дьиэттэн охсорго быһаарынна. Туох эрэ соччото суох дьыала саҕаланаары гыммытын курдаттыы сэрэйэн, бэл, илиилэрэ салыбыраатылар, хомуйа сылдьыбыт малын сорҕотун сиргэ таммалатта. Ол кэнниттэн ылыахтааҕын ылан баран, хайдах гынан ити киһиттэн төлө куотарын толкуйдуу олорон, хараҕа түннүккэ хатанна уонна арылларын өттүнэн таһырдьа тахсарга сананна. Онуоха, ыскааптан халыҥ сибиитэрэтин ылан кэттэ. Бу кэмҥэ ааны Альберт күүскэ тоһугуратан, алдьата сатаата. Кыыс хорсун санаатын киллэрэн, түннүгү арыйаат, малын-салын туппутунан, таапычыкалаах эрэ ыстанан кэбистэ уонна тиэргэнин кэлииккэтин диэки сүүрэ турда. Эмискэ ойоҕоһуттан улахан илии күлүгэ көстөөтүн, Нарыйаны Альберт хатыйан охторон түһэрдэ. Кыыс билигин дьиэҕэ киирдэҕинэ кырбанарын билэр буолан, абырал көрдөөн күүскэ, хатаннык часкыйда. Онуоха, эр киһи айаҕын бүөлээтэ уонна соһон кэриэтэ дьиэҕэ киллэрэ сатаата. Анарааҥҥыта туох да иһин иннин биэрбэккэ араастаан утарылаһан, төһө күүһэ кыайарынан оттон-мастан, аантан тутуһа сатаан көрдө даҕаны, туһаммата.
  • Соруоха! Акаары, дуреха!.. – дии-дии Альберт кэргэнин араас элбэх быдьар тылларынан үөҕэ-үөҕэ дьиэ саалатыгар киллэрдэ уонна муостаҕа умсары анньан түһэрдэ.
  • Туох буолан кыыһыран турдуҥ эн?! Бастаан быһаар, дьиккэр! – Нарыйа хараҕыттан уу-хаар баста.
  • Ити баай Баабылапка сытан биэрбит эбиккин! Көссүүлэспиккин! Эйиэхэ бу баар! Мин тапталбын эн маннык сыаналыыр эбиккин! – диэт, эр киһи суон илиитинэн Нарыйа нарын сирэйин оҕуста. Онуоха, кыыс тэйиччи соҕус дьыбаантан тиэрэ таһыллан түстэ. Ыарыытыттан уйа-хайа суох маккыраччы ытаан, туох даҕаны диэн саҥарыан билбэтэ... Эр киһи итиннэ сөп буолбакка, сирэйин сапта сатаан, илиитин-атаҕын бакыччы тардынан сытар кэргэнигэр ынан тиийэн, өссө хаста даҕаны сутуругунан киирдэ. «Чахчы, мин куһаҕаммын. Сиир буоллахына сиэ, өлөрөр буоллаххына өлөр! Кэргэннээх ааттаахпын атын киһиэхэ аралдьыйбыт, ханыылаах ааттаахпын атынныын булсубут, таптаабыт буруйдаахпын, куһаҕан дьахтарбын мин, куһаҕан дьахтарбын, төһө баҕарар саай, оҕус, өлөр...» - дии-дии Нарыйа ытыы-ытыы, үлүгэр ыарыыны тулуйа сытта...

Омоллоон Дьокуускай куорат диэки айаннаан иһэн, били өбүгэтин алааһын кытыытыгар тохтоото. Хараарбыт сири биир гына, саһархай оһуор буолан, бүүс-бүтүннүү ньургуһун үүммүт. «Хаарыан өбүгэм сирин көйгөлөөммүн, кылгас эрэ кэмҥэ тохтоон ааһабын. Наар тиэтэйэ-саарайа, ыксыы сылдьабын. Тоҕо куруутун оннуга буолуой? Олохпун оҥостоору, сирдээҕи олох дьолуттан астынаары, ол туһугар харчыны эккирэтэн, байан-тайан олороору... онтукпун барытын ситистим, тугум барыта баар. Оҕолордоохпун, харчылаахпын, элбэҕи атыылаһыах сөптөөхпүн... ол эрээри, миэхэ син биир тугум эрэ куруутун тиийбэт. Онтукам – истиҥ сыһыан, дьиҥнээх таптал... Эдэр эрдэхпинэ кэргэммиттэн тапталы булбут курдугум даҕаны, сылтан сыл ыксалаһыахтааҕар, бииргэ буолуохтааҕар, төттөрүтүн тэйсэн хааллыбыт. Ити сылаас сыһыаммытын харыстаабакка, быстаҕы эккирэтэн, үлэҕэ наһаа умса түһэн, харчыны элбэтэ сатаан, тапталбытын куоттарбыппыт... эбэтэр, таптал буолбатаҕа буолуо дуу? Оттон билигин, хас сыл олордум ини, олорботум ини, бу хонуу сибэккитин курдук кэрэчээн, күн күлүмүн курдук ыраас санаалаах, кыра оҕолуу күлэ-үөрэ сылдьар Нарыйаны буллум... ол эрээри, кини кэргэннээх. Мин кини олоҕун алдьатыахпын баҕарбаппын. Өбүгэлэрим, истэр-көрөр эрэ буолларгыт, мин быстах санааларбын, аньыыларбын-хараларбын бырастыы гыныҥ, атын дьон олоҕун отуорун аймаары гыммыппын алы гыныҥ...» - диэн иһигэр ботугуруу-ботугуруу, Омоллоон өбүгэтин алааһын устун хаама сырытта. Киэһэрэн эрэр киэҥ халлааны одуулаата, чэбдик салгыны толорутук эҕирийдэ. Онуоха, чэпчэки тыал сирэйин үрбүтүгэр, өбүгэлэрэ кинини истибиттэрин курдук ылынна. Эр киһи ньургуһуннаах хонууттан массыынатыгар төннөн, бириэмэ ырааппытын бэлиэтээтэ. Кини эмиэ иккис күнүн үлэтигэр тиийбэккэ сылдьар. Бассаап ситимигэр сэкэрэтээриттэн, бииргэ үлэлэһэр дьонуттан, оҕолоруттан сурук бөҕөтө кэлбит. Барыларыгар төһө кыалларынан хоруйдуу сатаата. Онтон, үлэтинэн биир дьыаланы быһаараары куруутун илдьэ сылдьар блокнотун көрдөөтө. Онтуката ханна даҕаны суох буолан биэрдэ. «Оо, таайым аахха хаалларбыппын», - н, Омоллоон кулуупка барыан иннинэ блокнотун таайын аахха остуолга хаалларан кэбиспитин саныы биэрдэ, - онтуката суох табыллыбаппын буоллаҕа, туох баар нүөмэрдэрим, былааннарбын суруйбутум онно баар, хайыахпыный, төннөр буоллаҕым». Үүттүү үрүҥ өҥнөөх джип массыына хара суол устун төттөрү куйаара турда.


  • Хайа, нохоо, блокноккун умнубуккун дуу? – Омоллоон таайа Уйбаан оҕонньор киирбит киһини мичээрдээн көрүстэ.
  • Дьэ, сааһыраммын умнуган буолбуппун... – эр киһи күллэ.
  • Ама, эн сааһырбыт үһүгүн. Оччоҕо биһиги олох даҕаны бохооруйа кырыйдахпыт, - дьиэлээх хотун Маанньа эмиэ тэҥҥэ күлүстэ, - чэ, киир, блокноккун ылан баран, тута төннөн хаалбат буоллаҕыҥ дии, чэйдээ. Омоллоон, чахчы даҕаны, билиҥҥи аһылыгы куоттардаҕына, куоракка диэри биллэ аччыктаан, сылайан-элэйэн тиийиэҕин сэрэйэн, иһирдьэ киирэн олордо. Бириэмэ даҕаны киэһэ алта аҥаар чаас буолбут, оттон куухунаттан наһаа минньигэс аһылык сыта сыта кэлэр.
  • Мммм, саҥаас Маанньа дьэ туох эрэ минньигэһин буһарбыт быһыылаах, киирэн аһыыр эбиппин, - дии-дии Омоллоон уоһун-тииһин салбанна.
  • Дьэ, кулуубун дьыалатын хайастыгыт? – диэтэ Уйбаан оҕонньор итии үүттээх чэйи сыпсырыйа-сыпсырыйа.
  • Барытын бүтэрдибит, маарыын Людмила Николаевна тойоҥҥо көрдөрбүт буолуохтаах, - эр киһи аччыктаабыта биллэн, бирэскини мотуйда - оттон эһиэхэ мин барбыппын кэнниттэн улахан уларыйыы буолбата ини?
  • Улахан суох...
  • Арай, арба, Уйбаан, маарыын маҕаһыынтан кэлэн истэхпинэ били Элбиэртээх олбуордарын иһиттэн хатан часкыыр иһилиннэ ээ! – Маанньа хотун биир сонуну кэпсиир соруктаах уоһун-тииһин оҥоһунна.
  • Бай, ханнык Элбиэрт? – Уйбаан соһуйан хараҕа кэҥээтэ.
  • Оттон, били иистэнньэҥ Маайыс кыыһын кэргэнэ, кинилэр тиэргэннэриттэн дьахтар кыланыыта иһилиннэ ээ. Мин соһуйан кутум куота сыста ээ. Оттон дьиибэргээн олбуор иһин өндөҥөлөөн көрө сатаабытым даҕаны, эмискэ дьиэлэрин аана күүскэ сабылынна, онтон дьиэ иһиттэн ким эрэ ытыыр энэлгэнэ иһилиннэ быһыылаах...
  • Бээ, эһиги били үнүр манна кэлэ сылдьыбыт Нарыйалаах тиэргэннэрин этэҕит дуо? – Омоллоон тапталлаах доҕоругар сыһыаннаах дьиибэ сонуну истэн, сирэйэ-хараҕа биллэрдии уларыйда.
  • Аһаа, кинилэр. Барахсаны, кыыс эрэйдээҕи эмиэ кырбаабата ини?.. – Маанньа салгыы кэпсээри оҥостунна.
  • Эс, ол Элбиэрт Нарыйатыгар илиитин көтөҕө сылдьыбыта дуо? – Уйбаан олох даҕаны истибэтэҕин истэн, кыараҕас хараҕа эрилис-тулурулус көрө-көрө, итии чэйин иһэ олордо.
  • Көтөҕө сырыппыт этэ! Сурах бөҕөтө буолта дии! – Маанньа оҕонньорун диэки «хайдах билбэккин» диэбиттии көрдө. Баччалааҕы истэн баран, Омоллоон миэстэтиттэн ойон турда уонна начаас үлүгэр тас таҥаһын кэтээт, бэрт тиэтэлинэн таһырдьа ыстанна. Оҕонньордоох эмээхсин сирэй-сирэйдэрин көрсөн эрэ кэбистилэр.

Омоллоон Нарыйалаах дьиэлэрэ ханан турарын билэр этэ. Таайын ааҕыттан икки уулуссаны нөҥүө өттүгэр турар кыыс тиэргэнигэр сүүрэн кэллэ. Арай, олбуор таһыгар полиция уонна суһал көмө массыыналара тураллар. Олбуор иһиттэн кимнээх эрэ саҥарса-саҥарса бэттэх диэки кэлэн иһэллэрэ иһиллэр. Эр киһи тиэргэҥҥэ киирэ охсон көрбүтэ, илиитигэр хандалылаах Альберты икки киһи тутан баран, анньыалыы-анньыалыы соһон кэриэтэ утары иһэллэр эбит.

  • Хайа, туох буолла?! – Омоллоон куһаҕан быһыы-майгы тахсыбытын тутатына өйдөөтө.
  • Эһиги кимҥитий? Дьиэҕэ киирэр көҥүллэммэт. Барыҥ мантан! – биир полиция киһитэ Омоллооҥҥо үөгүлүү-үөгүлүү, Альберты үтэн-анньан, массыынаҕа аҕалла. Омоллоон төһө даҕаны көҥүллэммэтин туһунан иһиттэр, утары ким даҕаны мэһэйдиэх айылаах суоҕун иһин, дьиэ иһигэр көтөн түстэ уонна суһал көмө үлэһиттэрэ муостаҕа сытар киһини бэрийэллэрин көрөөт, супту ойон тиийдэ уонна өҥөйдө. Арай көрбүтэ – сирэйэ үс хас сиринэн көҕөрөн, харахтара дэлби иһэн, тэтэркэй уоһа хатан эрэ кыа хаанынан бүрүллэн, нарын илиилэрэ бүттэтэ суох хайа тардыллыбыт курдук бааһыран, хара долгун баттахтара иилистэн, хараҕын ооккотун симпит Нарыйата барахсан сытаахтыыр эбит! Эрэ буолуохсут хайдах сатыырынан, төһө кыахтааҕынан, аһыммакка илиитин көтөҕөн, үлтү сэймэктээбит! Омоллоон маннык үлүгэри көрөн, таптыыр доҕорун аһынан, хараҕын уута сүүрдэ...
  • Нарыйаааа, сэгэриим, Нарыйаа, хараххын арый! – эр киһи кини кэлбитин даҕаны истибэт кырбаммыт кыыска чугаһыы сатаабытын, быраастар тэйитэ сатыы турдулар...

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:31

Көссүү таптала

(салгыыта) 11

Омоллоон дьоҥҥо хаһан даҕаны хараҕын уутун көрдөрбөтөх бэйэтэ, тохтото сатаабыт быраастар аттыларыгар туран эрээритин, тапталлаах доҕорун аһынан, аатын ааттаан, ыҥыран: уйа-хайа суох ытаата... Нарыйа ону истибиттии, сотору кэминэн, өйүгэр кэллэ, ыараханнык ынчыктаата уонна туох даҕаны диэн кыайан саҥарбата. Онуоха, эр киһи кыыһы аатынан ыҥыра-ыҥыра, чугаһаан көрдө даҕаны, тапталлаах сэгэрэ хараҕын ооккотун нэһиилэ арыйан көрөөт, төттөрү симэн кэбистэ. Бу бириэмэҕэ, дьиэҕэ кыыс ийэтэ уонна биир дьахтар киирэн кэллилэр. Алдьархайдаах хартыынаны көрөн, эмиэ ытаһан-соҥоһон бардылар.

  • Оҕом сыыһа! Сиэхсит киһиэхэ таах сибиэ кэргэн биэрэммин, оҕобун, көмүспүн... – ийэ киһи Нарыйаҕа чугаһыы сатаабытын, эмиэ быраастар тохтоттулар. Үрүҥ халааттаах мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бастакы көмөнү оҥорон баран, салгыы чинчийэ, көрө-истэ олорор үгэннэрэ буолан, мэһэйдэтэллэрэ биллэр. Бу тухары, ким даҕаны Омоллооҥҥо кыһаллыбата. Эр киһи бэйэтэ даҕаны, кыыс ийэтин хараҕын далыгар кииримээри, муннук диэки тэйэн биэрдэ. Онтон, быраастар кырбаммыт киһини наһыылкаҕа сытыаран баран, массыынаҕа таһаардылар, ийэтэ аах онно эмиэ тэҥҥэ кииристилэр... Суһал көмө массыыната биир чааһы кыайбатынан улуус киинин балыыһатыгар тиийдэ. Омоллоон буоллаҕына, массыынатынан кинилэри батыһан кэллэ уонна тэҥҥэ саппай уопсан кииристэ. Нарыйаны бэрт ыксалынан көрбүттэрин-истибиттэрин кэнниттэн, көрүдүөргэ турар дьоҥҥо биир быраас тахсан кэллэ.
  • Кыыскыт төбөтүн эчэйиитэ улахан диэммит, куораттан суһал көмө бөртөлүөтү ыҥырдыбыт. Онно өрөспүүбүлүкэтээҕи быраастарга киириэҕэ, суһаллык снимоктаан, чопчу туох буолбутун ымпыгын-чымпыгын быһаарыахтара. Сотору кэлиэҕэ, кэтэһиҥ. Биир киһи эмсэҕэлээбити кытта барсара көҥүл... – диэт, быраас төттөрү киирэн хаалла.
    Омоллоон, көтөр аал куораттан кэлэрин кэтэһэр кэмнэригэр, көрүдүөр устун төттөрү-таары хаамыталыы сырытта. Бу кэмҥэ, кыыс ийэтэ эр киһини дьэ өйдөөн көрбүттүү, утары хааман кэллэ.
  • Омоллоон диэҥҥин дии? – Нарыйа ийэтэ хараҕын уутун сотто-сотто, эр киһини хантайан көрдө. Кини кыыһынааҕар лаппа кыра уҥуохтаах эбит, ол эрээри, олох үүт-маас үүт-үкчүлэр. Оруобуна нарын доҕоро арыый сааһыран, үрдүгүнэн кыччаан эрэ кэлэн баран, кинини эйэҕэс харахтарынан өҥөйөн көрөн турарга дылы.
  • Мин Омоллооммун... бырастыы гыныҥ, кыыскыт туһугар мин эмиэ долгуйа аҕай сылдьабын, ол иһин кэлистим, - Омоллоон туох диэн хардарыаҕын билбэккэ, бу тахсыбыт куһаҕан быһылааҥҥа бэйэтин буруйданар буолан, сирэйин умса көрөн турда.
  • Мин кыыһым кырбаммыт биричиинэтэ – күнүү. Бу ааһан эрэр күҥҥэ миэхэ эн мин кыыспын кытта булсубутун туһунан сурах кэлбитэ. Толкуйдаатахха, Альберт эмиэ ону истибит быһыылаах... чэ, ону мин эйиигин туох даҕаны диэн бу кэлэн буруйдуур санаам суох. Кыыһым мээнэ киһилиин булсубатах буолуохтаах. Баҕар, олох даҕаны ити сурах сымыйа буолуо дии санаабытым, эйиигин көрөн баран чахчытын биллим... билигин буоллаҕына, бука баһаалыста, оҕобун иэдээҥҥэ тиэрдэн бараҥҥын, миэхэ көстүбэккэр көрдөһөбүн. Баһаалыста, бар!... Нарыйа чөлүгэр түһэн баран, эйиигин кытта кэпсэтиэн баҕардаҕына, биирдэ эрэ кэлээр... – Нарыйа ийэтэ көрдөспүт-ааттаспыт хараҕынан эр киһини тобулу көрдө. Кини чоҕулуччу көрбүт хараҕыттан көмүскэ уута биир кэм тохтообокко саккырыырын көрөн, Омоллоон ис иһиттэн өссө күүскэ иэнигийэн ытыах курдук, күөмэйэ бөтө бэрдэрдэ. Онтон, утары туох даҕаны диэн саҥарбакка, чуумпутук тахсан барда. Оргууй массыынатын собуоттаан, Дьокуускайдыыр суол диэки айанната турда.

Бу кэнниттэн үс күн ааста. Нарыйаны икки ойоҕоһо тостубут, төбөтүгэр хаан турбут диэн быһаарбыттара. Ону суһаллык эпэрээссийэлээбиттэрэ. Ол эрээри, балыыһаттан тахсыар диэри, чөлгө түһүүгэ үс нэдиэлэ курдук бириэмэ наадатын туһунан быраастар эппиттэрэ. Маны таһынан, эмтэниини күүһүрдэн биэриигэ, ыарахан сыаналаах эми-тому анаабыттара.

  • Ийээ... – Нарыйа уопсай балаатаҕа сытан, хараҕын оргууй аста уонна үөһээ истиэнэни көрдө. Кинини төбөтүн бобуонньуктуу биинтэлээбиттэр, ойоҕосторун гиипсэнэн эрийбиттэр.
  • Оҕом сыыһа, баарбын сыллыый, хайа, хайдаххыный? – кыыс ийэтэ олоппоско нуктуу олорон, оҕото ба> Korkina Iraida: балыыһаҕа киириэҕиттэн дьэ саҥарбытын истэн, сүүрэн кэллэ.
  • Төбөм ыалдьар... хотуолуох санаа киирэр... – Нарыйа төбөтүн өндөтөөрү гынна.
  • Һыллыый, бакаа наһаа хамсаама. Түөһүн гиипсэлээх, төбөҕүн гематоманы суох гынан, эпэрээссэйэлээбиттэрэ...
  • Оччоҕо, баттаҕым суох дуо? – Нарыйа оргууй биинтэлээх төбөтүн имэрийэн көрдө.
  • Дьэ булан ыйытар, баттах диэн баттах буоллаҕа, үүнүөҕэ дии төттөрү... Туох эмит наада дуо?
  • Аччыктаатым... Ийээ, Омоллоон ханна баарый? Нарыйа ийэтэ истиэм эрэ дии санаабатах ыйытыгын истэн, саҥатыттан матан хаалла. Туох диэн хоруйдуоҕун билбэккэ үөһэ-аллараа көрүтэлээтэ.
  • Ийээ, Омоллоон баар дуо диибин ээ? – кыыс хайдах эрэ ыххайбыттыы ыйытта.
  • Ээ... сыллыый, ити буоллаҕына, мин кинини үүрбүтүм ээ дии, тоҕо туора киһини эмиэ ыҥырдыҥ? Киниттэн сылтаан бу буолан сытаҕыҥ дии! – ийэтэ Нарыйаны илиититтэн уоскутардыы имэрийдэ.
  • Суох, мин кинини көрүөхпүн баҕарабын. Төлөпүөнүм ханнаный? Үнүр быраастар кэлэллэригэр дьиэҕэ кэлбитэ дии, миигин ыҥырбытын, ытаабытын истибитим... – диэт, Нарыйа тоҕо эрэ хараҕын уута бычалыйда.
  • Оодьэ, бу кыыс. Ол-бу буолан, үчүгэйдик билбэт киһигин чугаһатыа суоҕун этэ. Чэ, ити туһунан кэлин кэпсэтиэхпит, бастаан үтүөр, - ийэ киһи тиэмэни уларыта сатаата. Онуоха кыыс балаата үрдүн көрөн ылла уонна хараҕын симтэ. Ийэтэ эмиэ даҕаны сөпкө этэргэ дылы... Омоллоону билбэтэҕэ, кинилиин булсубатаҕа буоллар, бу курдук сирэй-харах буолан, балыыһаҕа киирэн сытыа суоҕа эбит. Сидьиҥ майгылаах Альбертан таах кырбаныллан, охсуллан-тэбиллэн, субу маннык доруобуйата айгыраан сытарыгар саҥа булсубут доҕоро сыһыаннааҕын иһин эмиэ даҕаны харааста санаата. Гынан баран, кини Омоллоону олус ахтыбыт, хараҕыҥ иннигэр эр киһи сахалыы номоҕон дьүһүнэ, киппэ этэ-сиинэ көстөн кэлэр, бэл, кулгааҕар били ыҥыран хаһыытаабыта иһиллэн чуҥкунуурга дылы. «Биһиги туспутунан сонуну ким тарҕаппыта буолуой?.. Лина диэхпин, мин киниэхэ, дьиҥинэн, эрэллээхпин ээ. Ити эрээри, киһи үөйбэтэх өттүттэн быһыыны-майгыны оҥоруон сөп буоллаҕа дии... Оо, таах сибиэ дьүөгэбэр кэпсээммин. Бу манныкка түбэһэн, суос-соҕотох ийэбин кыһалҕаҕа тэптим...» - дии санаата Нарыйа уонна хараҕын уутун кыатыммакка ытаан маккыраата. Субу маны туораттан ийэтэ көрөн, сүрэҕэ ытырбахтаан, күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох кыыһа сор-муҥ буолан, көмүскэ уутунан суунарын тулуйбакка, көрүдүөргэ таҕыста уонна сиэбиттэн Нарыйа төлөпүөнүн хостоото. Онно испииһэктэн Омоллоон нүөмэрин була охсон, тарбахтарынан суотабай экранын даҕайан, эрийэн эрэрин бэйэтэ даҕаны билбэккэ хаалла.

Дьокуускай куорат киин сиригэр турар «Сбербанк» дьиэтин иһигэр уһун-киэҥ уочарат. Омоллоон дьонтон тэйиччи соҕус, түннүк таһыгар төттөрү-таары хаамыталыыр. Кини олус тиэтэйбит, туохтан эрэ дэлби ыгылыйбыт, күүрбүт көрүҥнээх... Бу күннэргэ сүгүн-саҕын утуйбакка, санааҕа ылларан, олус илистибит көрүҥнээх. Билсиитэ-көрсүүтэ элбэх буолан, өрөспүүбүлүкэ балыыһатыгар Нарыйа ханнык салааҕа киирбитин, эпэрээссийэлэммитин уонна кини эмтэниитигэр дьоно харчыга ыктарбыттарын туһунан билбитэ. Ол иһин бүгүн, бу баан каассатыттан харчы устаары уочаратын кэтэһэр уонна бүгүн туох да диэбиттэрин иһин, балыыһаҕа кыыс ийэтин көрсө барарга быһаарына сылдьыбыта. Cотору буолаат, суотабай төлөпүөнүгэр Нарыйа нүөмэриттэн ким эрэ эрийдэ. Омоллоон, хап-сабар, ыла оҕуста.

  • Омоллоон, дорообо, Нарыйа ийэтэбин. Кыыспыт этэҥҥэ эпэрээссийэлэммитэ. Бэҕэһээ өйүгэр кэлбитэ, бүгүн саҥа кэпсэтэн саҕалаата. Тутатына эйиигин ыйытта... – төлөпүөн нөҥүө кыыс ийэтэ эр киһиэхэ туох буолбутун барытын кэпсээтэ, арай, харчыга ыктара сылдьалларын туһунан тугу даҕаны быктарбата... Омоллоон үчүгэй сураҕы истэн, буолаары буолан, кыыс кинини туоһуласпытын билэн, олус үөрэн, көтүөҕүн кыната эрэ суох буолла. Бэл, санаата тутатын көтөҕүллэ охсон, сирэйдиин-харахтыын сырдаабытын, аттыгар олорбут нуучча эмээхсинэ бэлиэтии көрдө уонна эр киһи каассаҕа киирбитин кэнниттэн: «Что с ним вдруг стало? А ведь был таким хмурым и унылым», - диэн аттыгар олорор киһиэхэ эттэ. ...Эр киһи Нарыйаҕа анаан харчы устан, маҕаһыынтан ас-үөл, сибэкки атыылаһан баран, балыыһаҕа сүр түргэнник элэстэнэн тиийдэ. Көрүдүөргэ кинини кыыс ийэтэ көрүстэ уонна Омоллоон халыҥ харчыны ууммутун көрөн, соһуйан, хараҕа тиэриллэ сыста.
  • Биһиги бачча элбэх харчыны ылбаппыт... тоҕо эмиэ харчы аҕаллыҥ?!..
  • Барыта Нарыйа туһугар... – Омоллоон дьахтар киниэхэ харчыны төттөрү ууна сатаабытын ылбакка, аахайбакка, Нарыйа сытар балаататыгар көтөн түстэ. Кыыс эр киһи куолаһын истэн, номнуо өндөйөн, сыттыкка өйөнөн олорор эбит. Омоллоон кинини тиийэн, илиититтэн ылла, имэрийдэ, оргууй уоһуттан уураан ылла уонна аҕалбыт кэһиитин аттыгар туумбаҕа уурда.
  • Омоллоон, мин эйиигин түүһээн аҕай биэрдим... Онон, уһуктан кэлэн баран, эйиигин көрүөхпүн баҕарбытым, - Нарыйа чаҕылыспыт харахтарынан Омоллоон диэки сэрэнэн хайыста уонна бааһырбыт, хаппыт уоһунан мичээрдээтэ. «Сэгэриэм, бу күнэргэ өйүм-санаам эн эрэ буолан сырыттым, эн тускар наһаа долгуйдум... Сэгээр, баһаалыста миигин, куһаҕан киһини, эйиигин маннык ыарахан балаһыанньаҕа тиэрдибит киһини бырастыы гын... тоҕо маннык буолан хаалбытын сураһан билбитим, маннык эбит. Эн Линаны кытта кэпсэтэргитин дириэктэргит истибит. Ол ону кэпсээн оҥостон, хонтуораҕа үлэлиир дьүөгэтигэр тиийэн кэпсээбит. Ону түбэһэ, аан нөҥүө өттүгэр туран, Альберт кэллиэгэтэ истибит. Ол киһилиин хонтуораҕа үлэлииллэр дии. Ону табаахтыыр кэмнэригэр, ол киһи үҥсэн биэрбит эбит... онтон салҕыы эмиэ хас даҕаны киһи билбит быһыылаах... сэгээр, мин курдук куһаҕан киһини, эйиигин манныкка тиэрдибит киһини алы гыныый дуу. Мин эйиигин манныкка тиэрдиэ суохтаах этим. Ол иһин бэйэбин олус улахан буруйдаах курдук сананабын. Онон, миигин тэйитэн, аны көрсүспэппит, билсиспэппит даҕаны диэтэххинэ, мин өйдүөҕүм...» - диэтэ Омоллоон уонна Нарыйа хараҕын уутун сылаас илиитинэн сотон баран, оргууй аҕай иэдэһиттэн имэрийэн ылла. Төбөтө барыта биинтэ буолбут, түөһүнэн аллара иһэ гипсэнэн бүрүммүт кыыһы көрөн, ис иһиттэн олус аһынна уонна туох диэн салгыы саҥарыаҕын билбэккэ, сирэйи кистии туттунна.
  • Омоллоон, мин эмиэ бэйэм сыыһалаахпын. Эйиигин туох даҕаны диэн буруйдаабаппын. Эйиэхэ тапталбын маннык толуктаһан ылан бараммын, ама, эйиигиттэн аккаастаннахпыный?.. ол эрээри... ол эрээри, мин билигин кыраһыабайа суох буоллум. Мин тараҕайбын уонна төбөбөр уп-улахан шрамнаах буоллум, аны туран, чөлбөр түһэрбэр эмтэнии бөҕөтө наада... Онон, тараҕай, кыраһыабайа суох Нарыйаны туох даҕаны диэбэт инигин?.. Эбэтэр, эйиэх кыраһыабайа суох дьахтар наадата суох дуу? – Нарыйа эмискэ, өссө күүскэ ытаан тоҕу барда.
  • Нарыйа, итинник диэмэриий, мин эйиигин тас эрэ дьүһүҥҥүн буолбакка, ис куккун, дууһаҕын таптаабытым. Эн олус ыраас киһигин. Эн курдук кэрэ аҥар бу Орто дойдуга суох. Эн чыычаах курдук тырыбынаан саҥарарын сүрэхпинэн киирэр, оҕолуу ыраа майгын санаабын-онообун дьайҕардар, сылаас, эйэҕэс сыһыанын сүргэбин көтөҕөр. Хайдах да буол, эйиигин кууһартан, сыллыыртан-уурууртан ордук дьол миэхэ суох... – Омоллоон кыыс иэдэһин устун супту сүүрэн харах уутун сото-сото, сыллаата-уураата. Бу түгэҥҥэ кыыс ийэтэ көрүдүөртэн сүүрэн киирдэ уонна эр киһини харытыттан тардыалаата.
  • Омоллоон, чэ, сөп буолуо, бар. Оҕом сынньаныа этэ...
  • Ийээ, Омоллоону үүрүмэ! – Нарыйа ытыырын быыһыгар, хаһыытаан ылла.
  • Нарыйа, кэлиэҕим сарсын. Чахчы, сынньаныаххын наада... – Омоллоон ыарыытыттан саҥа өрүттэн эрэр киһиэхэ уоскулаҥ наадатын сэрэйдэ уонна көрүдүөргэ таҕыста. Бу кэмҥэ кыыска сиэстэрэ кэллэ. Кини ыарыһах дабылыанньатын мээрэйдээн баран, тымырга систиэмэни холбоото уонна укуол биэрдэ. Онуоха, Нарыйа уоскуйда... Омоллоон балыыһаттан таҕыста уонна бу сырыыга, тоҕо эрэ, үрдүгэр мэндээрбит халлаана өссө эбии үрдээн, сырдаан көстүбүккэ дылы буолла. Эбиитин, тулата барыта сандааран, күн да күн буолбут уонна талахтар быыстарыттан чыычаах саҥата-иҥэтэ хойдон, киниэхэ анаан үтүө сонуну сибигинэйэр курдук...

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:34

Көссүү таптала

(кэпсээн салгыыта) 12

Бу кэнниттэн үс ый ааста... Альберт киһини эчэппитин иһин, холуобунай дьыаланы тэрийбиттэрэ, силиэстийэлээбиттэрэ, онтон сотору кэминэн суут буолуохтааҕа. Нарыйа бэйэтэ сайабылыанньа суруйбатаҕа эрээри, ийэтэ олох эккирэтэн туран, маннык сидьиҥ буруй накаастабылланарын ситиспитэ. Сокуон кинилэр тустарыгар этэ. Оттон кыыс буоллаҕына, кинилиин арахсар туһунан сайабылыанньаны биэрбитэ... ...Нарыйа этэ-сиинэ чөлүгэр түһэн, баттаҕа эр киһи киэнин курдук кылгас гына уһаан, атаҕар турбута, бэл, сымса соҕустук хаамар-сиимэр буолбута. Кини билигин дэриэбинэтигэр, дьонун аахха оҕолорунаан баар.

  • Ийээ, эн баттаҕын хаһан уһуоҕай? – алта саастаах, Сардаана диэн ааттаах Нарыйа кыыһа ийэтигэр көтөхтө олорон ыйытааччы буолла.
  • Аны сыл аҥарынан биир тутум буолуоҕа дии, ии, оҕом сыыһа, булан ыйытар ээ, - ийэтэ хардарда уонна оҕотун сыллаан ылла. Сардаанчык чап-чачархай баттахтаах, сып-сырдык сирэйдээх уонна арылыччы көрбүт сандаарбыт харахтаах. Үүт-маас аҕатын Альберт курдук сырдык субалаах. Ол иһин дуу, хайдах дуу, эр киһи кыыһын ордук чорботон таптыыра уонна атаахтатара.
  • Ийээ, аҕабыт хаһан кэлиэҕэй? Кини миэхэ наар маҕаһыынтан «Чокопай» аҕалааччы ээ дии... – диэн кыысчаан уустук боппуруоһу ыйытта уонна ийэтин сандаарбыт харахтарынан арылыччы көрөн кэбистэ. Онуоха, Нарыйа туох диэн хоруйдуоҕун билбэккэ, «мух-мах» буолан ылла уонна аттыларыгар баар оонньуурдарга аралдьыта сатаата.
  • Ийээ, аҕаа хаһан кэлэрий диибин ээ, кинилиин видеовызовтыахха сөп дуо эн төлөпүөҥҥүнэн? – Сардаанчык ыйытыытыгар хоруйу ылан баран, тэйэр санаалаах буолан биэрдэ.
  • Ийээ, кырдьык даҕаны, аҕабыт хаһан кэлэрий? - Нарыйа тоҕустаах, аҕыйах соҕус саҥалаах, холку майгылаах Сандал диэн уолчаана туораттан кыттыста уонна кинилэр аттыларыгар кэлэн олорунан кэбистэ.
  • Оттон ити... ити буоллаҕына... – ийэлэрэ туох диэн хардарыаҕын билбэккэ олордо.
  • Кини аны эһигини кытта олорбот. Аҕаҕытын аны икки-үс сылынан көрүөххүт! – куухунаттан Нарыйа ийэтэ Дария кэлэ охсон, кытаанахтык хоруйдуу оҕуста.
  • Оодьэ, ийээ, тоҕо инньэ диигин? – кыыс эбээлэрэ итинник кыттыһан саҥарбытын сөбүлээбэтэ.
  • Сөп буолуо, оҕо кырдьыгы эмиэ билиэхтээх, арааһынайдаан «отмазкалыы» сатыырбыттан сылайдым, эн даҕаны сылайан эрдиҥ ини? – аҕам дьахтар тас дьүһүнүгэр маннык ыйытыылартан биллэ хал буолбут сирэйдэммитэ көһүннэ. Хата, оччугуй кыысчаан улаханнык туох даҕаны диэбэккэ, ийэлээх эбээтин оҥой-соҥой көрөөт, муостаҕа ыстанан түстэ уонна онно баар оонньуурдарга аралдьыйда. Онтон эмискэ: «Ол икки сыл диэн төһө уһунуй?» - диэн ыйытта.
  • Түргэн! – Дария үөһэ тыынаат, төттөрү куухуна диэки барда.
  • Ыраах дии... – диэтэ Сандал уонна суотабай төлөпүөнүн туппутунан, хоско киирдэ. Нарыйа оҕолоро, бу курдук, кэлин аҕаларын ыйыталаһаллара элбээтэ. Бэл, ааранан эбээлэрэ истэ сатаан баран, маннык тыйыстык хардаран кэбистэ. Эдэр дьахтар маннык дьиибэ балаһыанньаҕа түбэспититтэн наһаа санаарҕыыр. Хайыаҕай? Көссүүлэспит буруйугар барытын уйарыгар тиийэр. Кини ис иһигэр бу барыта хаһан эрэ ааһыаҕа, бүтүөҕэ диэн кэтэһэ, эрэнэ саныыр. Кэлиҥҥи күннэргэ иккилии-үстүү хонук буола-буола, Омоллоон кэлэн барар. Куруутун өттүк харалаах, кэһиилээх, сибэккилээх буолар. Дэриэбинэ иһэ кинилэр сыһыаннарын туһунан сураҕынан туолбута быданнаата. Нарыйа бастаан маҕаһыыҥҥа, онно-манна тиийэригэр нэһиилэ, кыбыстан, умса туттан киирэр этэ. Билигин буоллаҕына, дьон саҥатыгар-иҥэтигэр, кинини туох дииллэригэр кыһаммат даҕаны буолан хаалбыт. Арай, ийэ киһи Дария тоҕо эрэ Омоллоону иһигэр олох киллэрбэт. Оттон эр киһи буоллаҕына, ону сэрэйдэр даҕаны, син биир кэлэ турар. Оҕолор кини кэһиилээх, бэлэхтээх, туох эрэ минньигэс астаах кэлэригэр үөрэнэн эрэллэр. Гынан баран, оҕолор үссэнэрин үссэнэн, оонньуурун эҥин ылан баран, атыҥыраабыт харахтарынан эр киһини супту көрөн кэбиһэллэр. Онуоха, туората, атыҥырыы саныылларын билэн, Омоллоон оҕолорго наһаа чугаһаабакка, арыый тэйиччинэн сылдьар.
  • Сэгээр, эн биһикки сыһыаммытын номнуо бары билэллэр. Дьокуускайга бары оҕолору кытта олоруохха сөптөөх улахан дьиэтин атыылаһыаҕым, эн онно оҕолоргун илдьэ, көһөн кэлээр, наһаа үчүгэйдик олоруохпут ээтэ дии. Сардаанчык дьыссаакка сылдьыаҕа, оттон уолчаан сахалыы чааһынай оскуолаҕа киириэҕэ, эн тугу гынаргын бэйэҥ билээр, - диэн эр киһи бу ааспыт сырыыга кэлэ сылдьыбытыгар, таһырдьа хачыалга иккиэн олорор кэмнэригэр эппиттээҕэ. Нарыйа, онуоха, туох диэн хоруйдуурун билбэтэҕэ.
  • Бээ, наһаа ыксаама, толору чөлбөр түһүүм, оҕолорбун бэлэмниим, - эрэ диэбитэ кини.
  • Сэгээр, ыйы кыайбатынан үөрэх дьыла саҕаланыа, быһаарса, оннубутун була охсуохха наада, - диэт, Омоллоон Нарыйаны оройуттан оргууй сыллаан ылбыта уонна кууспута. Маны барытын туораттан кыыс ийэтэ күүлэ түннүгүнэн көрөн-истэ турбута. Кини кыыһын Омоллооннуун ыытар санаата суох. Эмиэ хайдаҕа биллибэт, үчүгэйдик майгыта-сигилитэ арылла илик, буолаары буолан кыыһынааҕар аҕам киһиэхэ Нарыйатын биэрэн ыытар санаата суоҕа.
  • Нарыйа, эн Омоллоон этэрин истимэ! Кинини кытта түбэһиэх олоро-хайыы барыма! – диэн ийэтэ Дария мас-таас курдук этэн кэбиспитэ. Онон, кыыс эмиэ санаа-оноо буолан, күн-түүн ахсын инники дьылҕатын туһунан сыта-тура толкуйдуур күннэрэ бу тигинээн кэллилэр. Ааспыт аймалҕаннаах быһылаан кэнниттэн, кини олоҕо сүүс бырыһыан уларыйда. Биллэн туран, кэргэнигэр Альбертка төннүбэт. Ол эрээри, манна дэриэбинэҕэ хаалыан баҕарбат курдук. Тоҕо диэтэр, эрэ буолуохсут хаайыыттан аны икки-үс сылынан манна эргиллэн кэлиэ, оҕолорун күн аайы көрөр буолуо, олохторугар араастаан орооһон саҕалыа. Аны, Омоллооннуун бииргэ буолбуттарын көрөн, олох даҕаны туох буолан турара биллибэт. Өйдөөҕөр, баҕар, туох даҕаны диэҕэ суоҕа, син ырааҕынан, тэйиччинэн сылдьыбыта буолуоҕа эрээри, хаайыыттан тахсыбыт киһи хайдах майгыланан кэлэрэ биллибэт. Арыгыны син биир иһиэҕэ уонна хайаатар даҕаны Нарыйа таптыыр доҕорун «тыытыаҕа». Быһата, кинилэри сүгүн олордуо суоҕа. Инньэ гынан, кыыс төһө даҕаны иэримэ дьиэтиттэн тэскилиэн санаабатар, Омоллоон этиитигэр сөбүлэһиэн баҕарар. Кинилэр билигин бэйэ-бэйэлэрин ыксары билбит, эрдии-ойохтуу курдук чугас, истиҥ сыһыаннаахтар. Кыыс дьиэтигэр аҕыйахта баран, хонон кэлбиттэрэ, оҕолору илдьэ айылҕаҕа дьаарбайа сылдьыбыттара. Эр киһи, бэл, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн саҕалаабыта.
  • Хотуой, эн бэйэҕиҥ үрдүктүк сыаналыахтааххын. Тоҕо эн олоххун кэлэн ыскайдаабыт, санааҕын аралдьыппыт, Альберт эйиэхэ илиитин көтөҕөрүгэр биричиинэ буолбут киһиэхэ бараары гынаҕыный? Билигин куоракка илдьэ тиийэн баран, бэйэм киэнэ диэтэҕинэ, баай, харчылаах киһи хайдах буолан турара биллибэт. Эн кинини үчүгэйдик билбэккин! Һыллыый, мин эн тускар, эн оҕолоруҥ тустарыгар кыһаллабын, туох эрэ сэлээрчэх дьахтар курдук тыал хайа диэки үрэр даҕаны, ол диэки баран иһимэ эрэ... – диэтэ Дария күнүскү омурҕан кэмигэр. Кыыс ийэтигэр туох диэн хардарыаҕын билигин даҕаны билбэт. Биир өттүнэн, эмиэ даҕаны сөпкө этэргэ дылы. Ол гынан баран, кини маннааҕы Альберт дьонун, аймахтарын харахтарын далыгар көстүөҕүн олох баҕарбат.
  • Ийээ, мин улахан киһибин дии. Эн миэхэ наһаа үчүгэйдик көмөлөстүҥ, абыраатыҥ, онон, эйиэхэ улахан махтал, эйиигин, кыһамньыгын наһаа сыаналыыбын. Ити эрээри, санаан көрүүй, Альберт аны икки сылынан тахсыаҕа, тутатына оҕолорун көрөөрү манна кэлиэҕэ. Биллэн туран, мин көрсөллөрүгэр туох даҕаны диэн утарылаһыам суоҕа. Гынан баран, итиччэ үлүгэрдээх кырбаныы кэнниттэн, бырастыы гын миигин, мин кинини икки харахпынан көрүөхпүн баҕарбаппын... Аны туран, дьоно, аймахтара бааллар, кинилэр уоллара хаайыыга киирбитигэр миигин буруйдуу туруохтара, уулуссаҕа алҕаска көрсө түһэн бараммын, туох диэн мин кинилэрдиин айах атан кэпсэтиэхпин билбэппин... оттон эн Омоллоону билбэт диигин. Чахчы, билбэппин диэхпин сөп, ол эрээри, мин кинини наһаа сөбүлүүбүн, таптыыбын. Кини баайын эрэ иһин сэлээрчэхтэнэн кинилиин бииргэ буола сатаабаппын. Мин онно кыһаммаппын даҕаны... онон, бырастыы гын, оҕолорбун илдьэ куораттыыһыкпын быһыылаах... – Нарыйа ийэтин утары ааттаспыттыы чоҕулуччу көрөн кэбистэ, онуоха, хараҕыттан ып-ыраас көмүскэ уута сүүрээтин, маккыраччы ытаан барда. Ийэ киһи, оҕото дууһата айманарын, санаата-оноото ыараан, дууһата моруу буолан сылдьарын курдаттыы сэрэйэр буолан, тэҥҥэ ытаһыах санаата кэллэ. Хайдах гынан соҕотох кыысчаанын уоскутарын билбэккэ, туран оргууй кууста. Онтон кыыһын эр киһи курдук кылгас бүрүчүөскэлээх төбөтүн имэрийдэ уонна баһын уҥуоҕар эпэрээссийэ суола тыйыс чахчы буолан, өссө даҕаны хараҕы аалар дьулаан хартыынатын көрөн, оҕотун олус аһынна. Төһө даҕаны ыытыан баҕарбатар, сөбүлэҥин биэрэрин туһунан санаата.
  • Хотуой, чэ, уоскуй. Һыллыый, бэйэҥ билээр, мин эйиигин эмиэ биир алҕаһы хатылаабатын диэн сүбэлээбит дьүһүнүм ити. Ол эрээри, сүрэҕин туох диирин истэҥҥин, Омоллооҥҥунаан олорон да көр ээ, мин ону боппоппун, улахан киһигин. Эмиэ ол-бу буолуо диэн сүрэх бааһа буолан хаалбыппын. Онон, эн миигин эмиэ өйдөө, - аҕам дьахтар кыыһын кытта тэҥҥэ ытаһыах курдук, күөмэйэ бөтө бэрдэрдэ. Дьахталлар ытаһан-соҥоһон бүтэн, саҥа уоскуйан, иккис чааскы чээйдэрин иһэн эрдэхтэринэ, ааны тоҥсуйдулар. Ким даҕаны кэлэр сибикитэ биллибэтин иһин, дьиэлээхтэр сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Онтон, аан аһыллаатын, иһирдьэ сүүнэ улахан, роза сибэккилэрдээх икки халыҥ дьөрбөнү туппутунан, Омоллоон киирэн кэллэ уонна мичээрдии-мичээрдии аҕалбыт бэлэҕин биирин кыыска, иккиһин дьиэлээх хаһаайкаҕа туттаран кэбистэ. Эр киһи хайдах эрэ олус долгуйбут. Хайдах буолуоҕун билбэтэхтии, биир сиргэ тэпсэҥнии түһэн баран, атаҕын таҥаһын устаат, Нарыйаҕа чугаһаата, иннигэр аҥаар тобугар сөһүргэстээн олордо уонна сиэбиттэн күндү таастаах биһилэҕи хостоото:
  • Тапталлаах Нарыйам! Мин бу күннэргэ сокуонунан урукку ойохпун кытта араҕыстым. Онон, мин билигин көҥүл киһибин. Төһө даҕаны эн олоххор арыый чуумпута суохтук киирэн кэллэрбин, аймаан даҕаны ылларбын, миигин алы гынан тураҥҥын, маны кытта, атаҕастыам уонна атаҕастатыам суоҕа диэн мэктиэ тылбын биэрэн тураммын, бука баһаалыста миэхэ кэргэн тахсаргар көрдөһөбүн! – диэт, кыыска аҕалбыт киэргэлин утары уунна. Маннык үтүө түгэни, долгутуулаах мүнүүтэни кэтэспэтэх буолан, Нарыйа үөрүүтүттэн, соһуччута бэрдиттэн саҥата суох баран хаалла. Кыбыстыбыттыы ытыстарынан сирэйин кистээтэ, хайдах буолуоҕун билбэккэ, аҕыйах мүнүүтэ таалан турда. Ити тухары Омоллоон биһилэҕи уунан турда. Үөдүйбүт чуумпуга кини эрэ сүрэҕэ битигирээн иһиллэргэ дылы.
  • Хайа, Нарыйа? Омоллоон маннык гынан баран туруо дуо? Хоруйдаа дуу, хайаа дуу, - кыыһы ийэтэ үтэн биэрдэ.
  • Сөбүлэһэбин! – диэн эппитин Нарыйа кулгааҕа эрэ истэн хаалла уонна дьолунан кыыспыт хараҕыттан уу-хаар баһан, ытаан ньолҕоруйда.
  • Сэгэриэм, махтанабын эйиэхэ! Мин саҕа дьоллоох суох! Мин эйиигин наһаа таптыыбын! – Омоллоон тапталлаах доҕорун ыга кууста.
  • Мин эмиэ... – диэтэ кыыс уонна үгүһү кыайан эппэккэ, эр киһи сылаас суоһугар бигэнэ туран, хараҕын быһа симтэ. Бу курдук син тура түстүлэр. Маны барытын туораттан Нарыйа уоллаах кыыһа көрөн турдулар. Сардаанчык улаханнык тугу даҕаны өйдөөбөтөхтүү эрилис-турулус көрө. Оттон тоҕустаах Сандал обургу буолан, барытын өйдөөтө уонна тоҕо эрэ сөбүлээбэтэхтии көрөн баран, төттөрү хоһун диэки барда.
  • Чэ, оттон, туруохпут да? Ыалдьыппытын чэйдэтиэххэ, сибэккилэрбитин ууга ууруохха, - Дария үөдүйбүт чуумпуну уйгуурта.
  • Арба, мин эһиэхэ ас арааһын аҕаллым. «Доставка еды» барытын быһаарар, сойбут даҕаны буоллаллар, сылыттахха туох даҕаны оһуобай буолуохтара. Бүгүн – бырааһынньык... – дии-дии Омоллоон ааны арыйан, күүлэҕэ уурталаабыт бакыаттарын киллэртээтэ. Бары мунньустан, сиэдэрэй астаах сандалы тула олордулар, күлсүү-салсыы бөҕө буолла. Дьиэ иһэр толору дьолунан туолла...

Чугдаара (салгыыта суруллуо)

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 172
05.11.2022 10:36

Көссүү таптала

(кэпсээн 13 чааһа, түмүгэ)

Омоллоон Нарыйаҕа сөһүргэстээн олорон, кэргэн кэпсэппит долгутуулаах күнүн кэнниттэн, 2 сыл ааста. Самаан сайын салаллан, Дьокуускай куорат кытыы оройуона чээлэй күөх хатыҥнара, бэс мастара өссө эбии ситэн, тупсан киэркэйбиттэр. Аата ааттаммах, кистэлэҥ оройуоммутугар үрдүк күөх олбуор уһаан-тэнийэн турар. Тиэргэн иэнэ, бука, сүүрбэччэ суотайдаах быһыылаах. Тусаһа мааны оһуордаах халҕанын арыйааккын кытта, иннигэр кирпииччэ курдук быһыылаах булуоктартан оҥоһуллубут ыллык көстөр. Ол устун хааман истэххэ, икки ардыларыгар араас өҥнөөх сибэккилэр, эриэккэс быһыылаах оҥоһуктар, лаампалаах оччугуй остуолбалар, сиэдэрэй оҥоһуулаах ыскаамыйалар кэчигирэспиттэр. Бу суол тиэргэни кэрийэ хаамарга анаан, түөрт сиринэн арахсан салайбыт. Биир өттүнэн хаамтахха, кылабачыгас көмүс оҥоһуктардаах фонтан, иккис сиринэн бардахха, үрдүк түннүктэрдээх сауналаах баанньыкка тиийэр эбиккин. Оттон үһүс ыллыгынан улахан дьон уонна оҕолор сынньалаҥнарыгар анаммыт анал соҕоруоккалаах беседкаларга, шашлык астыыр миэстэҕэ, оҕо оонньуур былаһааккатыгар, бассейнҥа тиэрдэр. Төрдүс арахсыы суол түмүгэр, дьэ, дыбарыас курдук моһуоннаах, үс этээстээх, улахан түннүктэрдээх, оһуор киэргэллэрдээх болкуоннаах сүүнэ таас дьиэ дьэндэйэн турар.

  • Омоллоон, бүгүн наһаа астык күн буолбуут! – кылбаа маҥан былааччыйалаах, биллэ сэргэхсийбит, дьолломмут көрүҥнээх Нарыйа болкуоҥҥа тахсан кэллэ.
  • Оннук эбит дии! Бүгүн дьиэбитигэр, тиэргэммитигэр сынньаныах дии, бу нэдиэлэ устатын тухары эн даҕаны, мин даҕаны үлэлээтибит аҕай дии... – Омоллоон Нарыйаны кэлэн оргууй кууста, - көр эрэ мин диэки, сэгээр, мин эйиигин наһаа даҕаны таптыыбын, эйиигинниин дьоллоохпун даҕаны... – диэтэ уонна тапталлааҕын уураан ылла.
  • Мин эмиэ... Хайдах эрэ, бу кэнники икки сыл олоҕум остуоруйа курдук уларыйда дии. Биллэн туран, оҕолорум эйиигин олох ылымматахтара, ол эрээри, эн үтүө сыһыаҥҥар, элбэҕи ылан, бэлэхтээн биэрбиккэр махтанан, арыый даҕаны чугаһатыах курдук буоллулар быһыылаах. Сандал, бэл, эн массыынаҕыҥ оҥостор кэмҥэр батыһа-батыһа көрөр-истэр, эн кэпсииргин сэргиир. Сардаанчык, кэлин үөрэннэ быһыылаах.
  • Оннук, оттон мин оҕолорум улахан дьон буоланнар, син өйдөөтүлэр быһыылаах. Уолаттарым, хата, аҕаларыгар куруутун кэлэн бараллар, үнүр Сандалы квадроциклынан хатааһылаппыттара дии, син чугаһыстылар... – эр киһи Нарыйаны кууһан туран, олбуор нөҥүө көстөр мыраан үрдүгэр баар тыа саҕаҕын одуулаата. Нарыйалаах Омоллоон, бу курдук, сүүс-сүүстэриттэн өйөһөн-өйөнсөн, былыргы номох тылынан ханалытан этэр буоллахха, ньыр-бааччы «аал уоту оттунан, бур-бур буруо таһааран» олороллор. Олохторун саҥаттан саҕалыыр дьоҥҥо барыта саҥа – дьиэлэрэ-уоттара, олорор сирдэрэ, маллара-саллара. Бэл, эдэр дьахтар бэйэтэ таҥас тигэр оскуола арыйан, урбаанньыт буолбута. Сардаанчыктаах Сандал чааһынай саха оскуолатыгар үөрэнэ киирбиттэрэ. Омоллоон били куорат кытыытынааҕы эрэстэрээнин сабан баран, оҕолорго аналлаах сынньалаҥ киинин арыйбыта. Оттон бу сүүнэ улахан саҥа дьиэлэрин уонна тиэргэннэрин бэйэлэрэ толкуйдаан, оҥорон таһаарбыттара. Маныаха, Нарыйа уруһуйдуур, уратытык анаарар, ураннык ойуулуур дьоҕура арыллан кэлбитэ... Эдэр дьахтар бэйэтин наһаа даҕаны дьоллооҕунан ааҕынар кэмэ. Урут уруккаттан дьарыктаныан баҕарбыт үлэтин эйгэтигэр сылдьар, баай-талым олохтонон, быстыбат быйаҥнанан, уостубат уйгуланан олорор. Омоллоон буоллаҕына, түүһээн даҕаны иэйбэтэх истиҥ сыһыаны Нарыйаттан билэн, дьоллонон, сыа курдук сымнаан, бэл, урут күүрэн баран сылдьар бэйэтэ наҕылыйан, уоскуйан, олох орто тэтимин тутуһан сылдьар. Маннык нуурал эйгэни оҕолор эмиэ ис истэриттэн ылынаннар, дьоннорун саҥа олохторугар туллубат тутаахтарынан буоллулар. Нарыйа буоллаҕына, дьонун ахтан-санаан кэллэҕинэ, бары эйэ-дэмнээхтик тутуспутунан, дэриэбинэҕэ тахсан киирэллэр, тыа олоҕун күүстээх үлэтигэр Омоллоон күүс-көмө буолан, үчүгэй күтүөт буолан сылдьар. Нэһилиэк олохтоохторо кинилэр сыһыаннарын, бука, эмиэ эйэргээн, улаханнык туората көрбөттөр, ырыппаттар, саҥарбаттар. Арай, Альберт дьоно, аймахтара ордугурҕаан, кинилэртэн тэйбит урукку кийииттэрин хом саныыллар быһыылаах. Ол эрээр

эрээри, биһиги дьоммут онно улаханнык санааларын уурбаттар...

  • Ийээ, мин бэлэсипиэттии барабын дуо? – фонтан таһыгар хараабыллаах оонньуу сылдьыбыт Сандал болкуоҥҥа турар ийэтигэр үөгүлээтэ.
  • Сэрэнэн сылдьаар! – Нарыйа хардарда.
  • Ийээ, мин Сандалы кытта барсыахпын баҕарабыын, - Сардаанчык саппай уопсан, убайын батыһардыы сананна.
  • Сэгээр, кинилэри ыраахтан кэтии-маныы сылдьалларын курдук, Германнаах Натааһаны ыытыахха, - Омоллоон дьиэлэрин көрөр-истэр хаһаайканы уонна тиэргэни харабыллыыр Германы маната ыытарын туһунан этиини киллэрдэ.
  • Ээ суох, хайа муҥун наар клинершабытын уонна харабылбытын тыыттахпытый, уопсайынан даҕаны, кинилэри бүгүн сынньатыах, бэйэбит эрэ хаалыах, - Нарыйа сөбүлэҥин биэрбэтэ.
  • Чэ, чахчы, оннук гыныахха... Инньэ гынан, Сандаллаах Сардаана олбуор арыллаатын, бэлэсипиэттэрин ылан, бэйэлэрэ эрэ уулуссаҕа таҕыстылар. Бу эҥэр оройуоҥҥа бэлэсипиэттээх киһи сылдьарыгар анаан, наһаа үчүгэй тротуар баар буолбут этэ. Оттон дьиэлэр турар эрээттэрин усталарын тухары, видеокамералар ыйанан тураллар. Ол иһин, Нарыйа оҕолорун субу курдук олбуор таһыгар ыыталыырыттан улахханык куттаммат этэ. Уоллаах кыысчаан бэлэсипиэтинэн элээрэн, чугастааҕы оҕо былаһааккатыгар тиийэн, ыаллыы олорор атын оҕолору кытта оонньоон көрүлүүллэр.
  • Сардаанчык, миигин сит, - Сандал обургу бэлэсипиэтин миинээт, түргэтээтэ.
  • Эн наар түргэҥҥин дии, гынан баран ситиэм, - дии-дии кыысчаан убайын ситээри, түргэнник тэптэ. Оҕолор тротуар устун түргэнник, элэстик туруннулар. Утары ким даҕаны, туох даҕаны көстүбэккэ дылы. Арай, ойоҕостон, суол быһа охсуһуутун диэкиттэн хара массыына тахсан кэлэн, уоллаах кыыс аттытыгар тохтоото. Тимир көлө иһиттэн хара ачыкылаах эр киһи тахсан кэллэ.
  • Сардаанчык, Сандал! – диэтэ уонна ачыкытын уһулла. Оҕолор көрө түспүттэрэ – аҕалаатар аҕалара Альберт кэлэн турар эбит! Эр киһи биллэ дьүдьэйбит, ырбыт көрүҥнээх, сирэйэ-хараҕа куурбут-хаппыт уонна хараарбыт.
  • Һыллыыйдаар, хайа, аҕаҕытын билбэтигит дуо? – эр киһи оҕолорго утары хардыылаан кэллэ.
  • Аҕаа!! – Сандал соһуйбута бэрдиттэн, омуннаахтык ыһыытаан ылла уонна утары сүүрдэ. Сардаана буоллаҕына, төрөппүт киһитин көрбөтөҕө ырааппыта бэрдиттэн уонна сирэйэ-хараҕа даҕаны уларыйбыт эр киһини атыҥырыы көрөн, таалан турда. Хайыаҕын билбэккэ гынан баран, бэлэсипиэтин сиргэ элитээт, убайын үтүктэн утары сүүрдэ. Альберт оҕолорун ыбылы кууста, ахтылҕанын таһааран, сыллаата, бэл, хараҕын уута иэдэһин устун сүүрэн ылла.
  • Аҕаа, эйиигин хаайыыттан таһаарбыттара дуо? – диэн Сардаанчык соһуччу ыйытыылаах буолла.
  • Сардаанчык, итинник ыйыппаттар ээ, - диэн хата убайа буойда. Альберт оҕолор саҥарсалларыттан күлэ-үөрэ турда.
  • Ии, оҕолорум сыыстара, улааппыккыт аҕай дии, барсаҕыт дуо миигин кытта?
  • Ханна?
  • Мин дьиэбэр. Аҕаҕыт дьиэтигэр сылдьыаххытын баҕарбаккыт дуо? Мин эһигини аҕынным аҕай дии, хатааһылатыам, онно-манна сылдьыахпыт, аһыахпыт-сиэхпит, пааркаҕа барыахпыт... – Альберт Сардаанчыгы көтөҕөн ылан баран, массыына диэки хаамта.
  • Аҕаа, ийэбитигэр этиэхпитин наада дии, - Сандал обургу оҕо буолан, бастаан ийэтиттэн көҥүллэтиэхтээҕин туһунан санаан кэллэ.
  • Ээ... төлөпүөннээн этиэҕим, долгуйумаҥ, чэ, барыах... – эр киһи массыына аанын арыйда. Сандаллаах Сардаана аҕаларын батыһан, массыынаҕа киирдилэр. Тимир көлө уулуссаттан тахсан, куорат киинин диэки турунна. Бу кэмҥэ Омоллоон Нарыйалыын иккиэн эрэ хаалбычча, таһырдьааҥҥы бассейнҥа сөтүөлүү, көччүйэ сырыттылар... Кинилэр дьоллоруттан үөрбүттүү, үрүҥ күн халлаанҥҥа мичилийэ сырдыы, чаҕылыйа тыгар. Ону кытта тэҥҥэ үрдүк мэҥэ халлаан ыраахха диэри мэндээрэн нэлэйэр.
  • Дьол диэн – эн эбит! – Омоллоон Нарыйаны өссө биирдэ сыллаан ылла уонна таптыыр доҕорун эйэҕэстик, истиҥник көрөн ылла...

Ираида Коркина-Чугдаара

Добавить комментарий