Кэпсээ
Войти Регистрация

Эрэйдээх оҕо сааһым

Главная / Кэпсээ / Эрэйдээх оҕо сааһым

Добавить комментарий

Ð
Кэпсээ Подтвержденный 177
07.11.2024 13:43
6k 1

An image to describe postСемира - 12 марта 23:52

Дорооболорун 😚 мин кылгастык бэйэм туспунан суруйян холонон керуехпун багарабын. Билигин санаатахпына ыарахан урукку кыра ого сааьым оло5о... Васильевтар дьиэ кэргэттэригэр кутулээх бастакы кыыс огоннон тереебутум. Арай оччолорго эьээм эбээм абааьы кербуттэр эбит Ийэлээх а5абын кытта атын улууска олорбуппут. Балтараа сыл боолан баран мин кыра балтыламмытым Сардаана ден.Ол иьин эбээм миигин кере ылар буолбут этэ. Кыра кыралаан эбэлээхпэр сайын кыьын кэлэр барар боолбутум. Ол кэннэ эбэлээх эьээм отой куннэрэ ыйдара тахсар боолан баран испитэ. Ийэбэр кыстыы диэн ыытан баран эбээм икки ус хоноот огом ытыыр огом аччыктаабыта боло ден сылтагыран кэлэн ылан барааччы. Ийэм ытыан багарбатар дааны ийэтин тылыттан тахсыбат эбит ол сагана.( эбээбит кытаанах майгылаах болааччы.)Кыра сылдьан санаатахпына миигин куруук а5ам туора ого курдук керееччу. Агабыт дьиикэй багайы киьи болааччы. Итирдэр эрэ ийэбин ынырыктык кырбааччы. Аьынар да этим ийэбин. Аны миигин бу кыыс оготун эмэьэ тэбиэлиир этэ. Ийэм а5ам сырайын утары керееччутэ ьуога. Аны ол сагана сотовай ден суох домашный телефон баара. Аны эбэлээхпэр суога. Онон почтаннан через звоннааччы. Эбээбэр ытыы ытыыбын миигин кэлэн ыл диэччим. Эбээм кэллэгинэ дьэ мин кунум тахсар этэ. Аны миигин манна хаалларыма диирим. Эбээбэр бардахпына ийэбин суохтаан ыалдьан халааччым. Ону эбээм миигин оготун курдук ииппитэ. Семира эттэ ден боолар барыта. А5абыттан наьаа куттанар этим. Аны бу санаатахпына оччолорго 6-7 ого этим утуйяр бириэмэбэр туун илиибин ере ууннаран баран олордооччу. Балтым учугэй баайдык утуйяр этэ. Миигин оннук сордооччу. Балтыбын наьаа хайгааччы таптааччы куруук миигин тэбэ охсо сылдьааччы. Ийэм аьынан миигин кербет бириэмэтигэр сыллыы имэрийэ сылдьааччы. Аны эбээбэр унсэрбин иьин телефонна манаан туран кэпсэтиннэрэр этэ багайы. Мин эрэйдээх бу кып кыра ого харагым уута суурэ суурэ кэпсэтээччим улахан киьи курдук. Тугу эмит сыыьа санардым дааны телефон ууран баран талыгынан таьыйааччы. Итирэн кэллэгинэ мин куттанан хоско орон анныгар саьааччым. Ардыгар онно хонон да турааччым. Ийэбин ыттыы кырбааччы. Куруук ке5ербут сырайдаах ин сылдьааччы. Онтукатыттан кыбыстан биьигин магазинна ыытар этэ. Кэнникиннэн балтыбын абааьы керер боолтум. Ас мааныта киниэхэ аны таьыллыбат. Мин эрэйдээх куруук уегуллээччим сырай харах анньыллааччым билигин да санаатахпына иьим буьар ончу. Эьээлээх эбээбэр бардым эрэ мин са5а дьоллоох суох буолааччы. Ас арааьа оонньуур арааьа. Кэнникиннэн дьоммуттан тэйэн барбытым. Барыах санаам кэлбэт боолан барта. Ол эрээри ийээбин наьаа суохтуур этим. Балтыбар наадыйбат этим. Арай биирдэ эбээм эттэ. Дьонун кэлэллэр сайылыы диэтэ. Оо мин уердэхпиэн. Кэлэр кэмнэрин куннэрин чаастарын кутээьин манааьын. Дьэ ол кун тиийэн кэллэ. Оо ийэм оонньуур арааьа платья заколки ин беете. Наьаа уердум. Балтым халаннаах ачаа багайы буолбут этэ. Ийээбэр чугаьаары гыннахпына тыыттарбат чугаьаппат этэ. Арай ийэм уруккутун курдук чугаьаппат эбэгэр бар диэн иьэр. Оо онно сурэгим атагым тилэгэр туспутэ. Дэлби хомойдум. Уонна ол туун эттим эбээбэр ити дьоннор хаьан бараллар дебитим. Балтым халаннаах багайы этэ. Оонньуурбуттан кенеммун ийээбиттэн мегуллэр ин бооллум. Ый курдук боллулар. Мин абааьы кереттуур буоллум. Биирдэ мин туспуттан эбээлиин этистилэр. Эбээбин ийээм наьаа ынырыктын санаран барбыта онно. Ол жэ киэьээ улуустарыгар теннубуттэрэ. Миигин сыллаабакка да барбыта онно наьаа хомойдохпуон. Ол кэннэ мин биир неделэ ыалдьан турбутум. Ийээбин наьаа суохтуур этим. Чэ ол курдук сыл хонук ааьан истэ. Мин школа киьитэ буоллум. Мин дьоммун да ыйыппапын кинилэр да кэлбэттэр этэ. Биирдэ ийээлэр куннэрэ ден праздник буолла. Мин эбээбинээн бардым. Курэхтэьии буолла арай мин ейдеен кердехпунэ бары эдэр баайи ийэлэрдээх эбиттэр. Миэнэ эрэ кырдьагас эбит. Мин наьаа оголорго ымсыырдым.( Барахсан) школага киирэрбэр ону замечайдаабатах эбиппин эрдэ. Дьиэбэр баран иьэн тугу да санарбаппын. Онтон эбээм эттэ ийэн эйигин наьаа куускэ таптыыр диэтэ. Ону эбээгэ суох миигин хаалларан быраган барбыта диэммин эттим. Ону эбээм дьиэбэр дылы санарбакка барда. Ол кэннэ бу ийэн ыытта дии дии бээтэ платья туфлья атыылаьа биэрэр буолбута. Аны ол кэннэ кылааьым оголоро кулуу гынар буолбуттара. Ийээтэ эмээхсин дии диилэр. Ону мин ийээм буотах эбээм дии ытааччым.

Чэ ол курдук 3 кл буоллум. Биирдэ эбээм эттэ аны эн ийэгэр барагын онно баран уерэнэгин диэтэ. Оо мин испэр уердэхпиэн. Ол эрээри эбээбэр биллэрбэтим. Хомунуу сунуу соттуу хас биирдиилэригэр кэьии кердееьуннээхпин эьээбинээн магазинна бараммыт. Сайын бутэн айаннаатым. Арай тиийбитим дьиэ таьыттан кердехпунэ алдьаммыыт туннук. Алдьаммыт олбуор ин. Ийэм тахсан керустэ. Сылластыбыт куустустубут ин. Балтым улааппыт. Арай а5ам суох. Дьиэгэ киирбитим кып кыра уол ого хаама сылдьар. Бу эн братын Сандал диэтэ. Оо уердэхпиэн. Чэ кэьиилэрбин тунэттим барыларыгар. Арай бырааппар туох да суох эбит. Барахсаным ону эрэ ейдеебет буо. Кып кыра буооллага дьии кини оччолорго. ункулээн хоьооммун аагаммын ийэбэр балтыбар браппар кердердум. Киэьээнни аспытын аьаатыбыт арай а5ам суох. Аьаан бутэн ийэм иннигэр кэннигэр туьэммин иьит хомуйустум. Арай бу санаатахпына рама иьитигэр торуой ин сеебит эбиппин. Курууска ин этэ чааккылара. Аны ийэбинээн оьоххо мас кетеге та5ыстыбыт. Мастара суох ол иьин мас хатырыктара сытар сиртэн хаарга кемуллубут мастара атахпытынан тарыйа тарыйа кердеен нэьиилэ биир кетех киллэрдибит. Аны уктэлбит таьыгар мап маган кусаан баайы ыт баара миигин ытыра сатыыра ончу куруук. Ийээбит хоонньугар киирэн 3 ого биир кыра оронно утуйдубут. Арай догоор туун ортото ааммытын ким эрэ тэбиэлиириттэн уьугуннум. Ийэм эрэйдээх быстаран утуйян хаалбыт этэ. Ийээбин туруордум. Барахсаным сыыьа дэлби ыксаан суурэн баран аста да. Блэт диэбитинэн а5ам киирдэ да тгу эрэ огуста наьаа ынырык тыастан суурэн тагыстым кухняга. Кербутум ийэм эрэйдээх сытар эбит муостага. Сарылаабытынан ытыы ытыы ийэбэр бардым. Ону миигин керен баран бу багайы тыыннаах эбит ду диэтэгэ уьу. Дьэ ыныры ыныра миигин сорбун сордоото кыра эрдэгинээгим курдук утуппат илиибин ере ууннара туттаран баран олордор. Ол быыьыгар илиибин туьэрдэхпинэ талагынан кехсубэр илиибэр охсоро. Ытаатахпына уоспар ытыьынан саайара. Оо оннук куннэ дьыллар ааьан истилэр. Биирдэ балтыбынаан хоонньоьон утуйдубут. Балтым тэллэххэ ииктээбитэгэр миигин таьыйда уонна муостага кирдээх танас тэлгээн баран утутта ээ. Хайыахпыный эбээбин эьээбин саныы саныы ытаатым. Уонна ол туун эбээбэр хайаан да барыахпын наада диэн ейбер хатаан кэбистим. Эбээм звонуур. Миигин суох оонньуу сылдьар ин диирэ. Или ийээбинэн албыннаттара. Утуйа сытар дэттэрэрэ. Биирдэ ийээм суогар ытырыык ытын киллэрэн миигин куттаппыта. Ытыттара сатыыра. Дьиэни биир гына куоппутум. Кини онно иэрийэ иэрийэ ирээки киьи курдук кулэрэ. Оо онно куттаммыаппыан. ( тебетунэн мелтех деххэ дьонно тагыстагына чыычаахтарым сыллыйдарым диэн ааттыыра). Биирдэ эбээм телефоннаабытыгар. Синэ биир диэммин эбээ дии диибин часкыйа часкыйа ытаабытым. Ону истэн телефону биэрин диэбитигэр а5ам багайы телефону хампы сынньан алдьатан кээспитэ. 2 -3 хонон баран эбээм кэлбитэ. Оо онно уербуппуен. А5ам ийэм дьонуттан наьаа куттанар этэ. Ол туун эбээбэр тууну супту ытаабытым илдьэ бар хаалларыма дии диибин. Кылгас куудара баттахтаах буолааччы эбээм. Онно баран халыа диэммин тарбахпын баттагар эрийэн баран утуйбутум.

Ити курдук эбээм миигин дойдутугар илдьэ барта. Наьаа уербутум дьолломмутум. Эбээбэр эьээбэр олороммун школабын ин бутэрбитим. А так ийэм уонна агам кыра быраатым елбутун кэннэ арахсыбыттара. Дьоннорум куоракка кеьен барбыттара. А так билиин ийэбинээн кэпсэппэпин тэйсэн хаалбыппыт. Балтыбынаан редко эрэ кэпсэтэбит. Ийэм да миэхэ улазаннык наадыйбат курдук. Агабыт барахсан ханна баарын билбэппит. Тыыннаах эрэ елбут эрэ. Билиэхпин да багарбаппын. А так ийэм билиин сиэннэринэн дьоллонон олорор кыра балтым икки ого кун кубэй ийэтэ. Мин бэйэм талбыт уерэхпин бутэрэммин себулуур учугэй улэлээхпин. Ол эрээри миэхэ туох эрэ тиийбэт курдук. Кэргэним да огом да суох. Эбэлээгим хаьан хос сиэн кердепегун эрэ диэхтииллэр. Хайдах эрэ агабыттан сылтаан эр дьон бары агам курдуктара боло дии саныыбын. Чя ол эрээри санаабын туьэрбэппин эбээм эьээм дьоллоохтор аттыбар бааллар мин онон дьоллоохпун. Эбээбэр эьээбэр улахан махтал. Кэлин аналбын керсеммун мин да ийээ дэнэр дьолу билиэгим. Аахпыккыт иьин махтал.
Дьоллоох доруобай буолун!

Семира
23 марта
Бырастыы гынын сурэгэлдьээммн кылгатан кэбистим 🤪

T
10.11.2024 15:51

Салгыытын кыайан киирэн аахпатым. Киирбэт үксүлэрэ этэллэр таах бириэмэни атаарыы

Добавить комментарий