Главная / Кэпсээ / Сэргэлээх ыра санаам ымыыта
Добавить комментарий
Автор: Кыыс Мунду 1 июня
Ардах тохтуу-тохтуу кэлэн түспүтэ хас да хонно. Бу сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ ардах уһаан-тэнийэн бараары гыннаҕына, дьон-сэргэ уйаларыгар уу киирэн туох да буруйа суох халлааны кытта үөхсэн ылааччылар. Саха киһитигэр сайыҥҥы күннэр олус былдьаһыктаах буоланнар илиилэрин үлэттэр араарбакка, үрүҥ күнү көрбөккө түһүнээччилэр. Онтон бу быыкаа дэриэбинэ ортотугар турар дьиэ түннүгэр олорор эдэрчи дьахтар ардах түһэрин саҥа көрбүттүү сонурҕаан олорбута хаһыс да хонуга. Кинини манаан көрөр киһи баара буоллар бу эрэ түннүккэ анаан төрөөбүт диэ эбитэ буолуо. Даайа кыыһын үөрэххэ туттарыһыннара ыытан баран чуҥкуйан, оҕотун суохтаан тэһийбэккэ ааһар дьону одуулаһар. Кыыһа Галя быйыл оскуолатын бүтэрэн юрист үөрэҕин баһылаары киин куоракка барбыта. Барбакка эрэ биир кэлим экзаменнар түмүктэринэн докумуоннарын эрэ ыытаары гыммытын ийэтэ буолбакка барбыта. Оҕолору да кытта билсиэ, куораты да көрөн удумаҕалатан үөрэнэригэр чэпчэки буолуо дии санаабыта. Оннук буолуон ийэтэ бүк эрэнэр. Дьиҥэ Даайа кыыһын саха салаатыгар ыытыан баҕарбыта, кини оҕо сылдьан ымыы гыммыт ыра санаатын кэлин сиппэккэ мин туолбатах ырабын оҕом ситиэ диирэ. Онто олох атыннык эргийэн тахсыбытыгар олус хомойдор да хайыай, кини кыыһа бэйэтэ тус санаалаах, эмиэ кини курдук ыра санаалаах киһи буоллаҕа. Даайа оҕо сааһа оҕо дьиэтигэр ааспыта. Төрөппүт ийэлээҕин дуу, аҕалааҕын дуу билбэккэ улааппыта. Төһө да тулаайах буолар сорун билбэтэр, кини төрөппүт дьонугар кыһыйа саныыр. Онон кини төрөппүттэрин туһунан тугу да күн бүгүнүгэр диэри билбэккэ сылдьар, дьиҥэ билэ да сатаабат. Кинини куруук ньээнньэнэн оҕо дьиэтигэр үлэлээбит эбээтэ көрөн-истэн улаатыннарбыта. Оҕолортон барыларыттан чорботон кинини эрэ кытта бодьуустаһара, кэлин кыыһы бэйэтин аатынан суруттаран ыла сатаабытын сааһыттан иҥнэн биэрбэтэхтэрэ. Маҥан сыбахтаах дьиэлэргэ сырыттаҕына кини куруук оҕо сааһын, эбэтин санаан кэлэн уйадыйан ылааччы. Эбэтэ куруук киниэхэ кинигэ аҕалар этэ, ол да иһин буолуо кини саха литературатыгар сыста улааппыта. “Төлкө”, “Сааскы кэм” романнары сыттыгын анныгар укта сылдьан ааҕара. Оскуоланы үчүгэйдик бүтэрбитэ. Эбэтэ барахсан кыыһы күүһүнэн кэриэтэ үөрэххэ туттарыһыннара Дьокуускайга ыыппыта. Кыра харчы сыыстаах, кумааҕыга ыйыллыбыт аадырыстаах киин куораты булбута. Хаһан да харахтаан көрбөтөх дойдутугар кэлэн кус оҕолуу муммута. Син докумуоннарын туттаран тургутуулары ааһан испитэ да бүтэһик тургутуутугар бэһис автобуска атын өттүнэн олорсон куорат биир уһугар тиийэн хаалбыт этэ. Төттөрү айаннаан кэлиитигэр тургутуулара номнуо ортолообут этэ, онон кинини баҕалаах үөрэҕэр ылбатахатара. Докумуоннарын тутан култуура уонна искусство училищатыгар тиийбитин бэрт кэбэҕэстик худруг идэтигэр киирэн хаалбыта. Онон кини төһө да баҕарбатах үөрэҕэ буоллар син үөрэххэ киирэн, уопсайга ылыллан сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, эбээтин эрэлин түһэн биэрбэтэҕэ. Кини үөрэхтэнэн киһи буолан эбэтин кытта олоруон баҕарара да ол баҕа санаата туолбатаҕа, эбэтэ кыыс маҥнайгы үктэлгэ үөрэнэ сырыттаҕына олохтон туораабыт этэ. Кини ону олох кэнники кистээбиттэрин, 40 хонуга ааспытын эрэ кэннэ билбитэ. Баҕар үөрэнэ сылдьар кыыһы үөрэҕиттэн аралдьытыахтарын, харчыта да суоҕунан сатаан кэлбэтин сэрэйэн аймаабатахтара буолуо диэн Даайа хом санаабатаҕа. Үөрэҕэ бэрт үчүгэйдик саҕаламмыта. Манна да сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар үөлээннээхтэрэ баарыттан үөрбүтэ. Үөрэхпин бүтэрдим да үрдүккэ туттарсыам дии саныыра. Ол да иһин буолуо кини бу үөрэҕэр олус кыһаллан, ханна да аралдьыйбакка үөрэнэр этэ. Биир эмэ соло күнү буллаҕына Саха Государственнай Университетын диэки хаамара, баҕалаах үөрэҕэ кинини оннук угуйар этэ. Биир эмэ дьүөгэлээх да буолбаппын сатаатар уопсайдарын иһин көрбүт киһи дии саныыра. Кини санаатыгар оҕолор бары түмсэн, төгүрүччү олорон “Сэргэлээх” диэн ырыаны ыллаан эйээрэр курдуктара. Сып сырдык түннүк нөҥүө өр туран баран уопсайын диэки хоочугуруу хаамара, дьиҥэ кини онно өссө да туруон чараас таҥастааҕа мэһэйдиир курдуга. Кини аттынан бэрт мааны таҥастаан оҕолор аастахтарына кыбыстан умса көрөрө, манна киирбэтэҕим да үчүгэй хаһан кинилэргэ кытта тэҥнэһээри диэн санаан ылааччы. Кини чуҥкук олоҕун Саша диэн олус элэккэй, сайаҕас уол аймаабыта. Уол куруук кыыһы манаһара, киинэҕэ ыҥырара. Даайа бастатан туран үөрэх диэн бүччүм санаатын уол сэрэйэр этэ. Бу олус борустуой, аҕыйах саҥалаах кыыһы Саша ийэтигэр майгыннатан олус чугастык ылыммыта. Даайа бастаан кэтэҕэмэйдээн баран уолу бэйэтигэр чугаһаппыта. Иккиэн сиэтиспитинэн үөрэнэ бараллара, үөрэхтэриттэн уопсайга кэлэллэрэ. Киинэҕэ, катокка сылдьаллара. Сааскы тургутууларын иккиэн үчүгэйдик туттаран
Куоракка киирэн Саша үөрэҕин быыһыгар концертарга ыллыыр, үҥкүүлүүр ону таһынан куруусчуттуур буолан устуодьуннуур сылларыгар туох да кыһалҕаны билбэккэ олорбуттара. Эрдэ олохтон туоруурун билбит курдук кэргэниниин этиспиттэрэ да суоҕа, куруук ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьыбыта. Үөрэхтэрин бүтэрэллэрин саҕана Даайа оҕо күүтэрэ биллибитэ, онон кинилэр Саша дойдутугар тахсыбыттара. Кулууп дьиэтигэр биир эрэ миэстэ баарыгар Даайа киирбитэ, онтон Саша инники тырахтарыыстыы сылдьыбыт буолан дьоҥҥо от-мас тиэйэр этэ. Оҕолоро күн сирин этэҥҥэ көрбүтэ, эдэрдэр үөрүүлэрэ муҥа суоҕа. Саша ийэтэ сынньалаҥҥа олорор буолан оҕо көрсөн абырыыр этэ, онон Даайа үлэтигэр уоппуска кэнниттэн тута тахсыбыта. Сайын кэтэхтэн үөрэххэ туттарсаары бэлэмнэнэрэ. “Оо бу санаатахха Сашабын ити да үөрэҕинэн сулуйан сордуур эбиппин, миигин үөрэттэрээри суорума суолламмыта буолбаат”- диэн санаалаах элбэхтик да үөһээ тыыныы, харах уулаах күннэр аастахтара. Ол сахха Даайа эдэрэ да бэрт буоллаҕа, олоҕу билбэтэх киһи баҕа санааннан сирдэтэрэ. Көмүс кытахтан төкүнүйбүт дииллэринии, дьиҥэ киһи сирбэт олоҕор олорбуттара, иккиэн үлэлээх, олорон эрэр дьиэлээх этилэр. Биир кыһыҥҥы аам-даам тымныыга Саша от тиэйэ ыраах алааска айаннаабыта, оту тиэйэн кэлэн иһэн күөлгэ муус уйбакка ууга түһэн олохтон былдьаммыта. Ол киэһэ өр да күүттүлэр этэ, киэһээҥҥи халлаан тымныыттан тыйыһырара, күүттэххэ уһунуттан бары им-ньим баран тыаһы эрэ иһиллии сылдьыбыттара. Ыксаан бураннаах дьону көрдөһөн ыыппыттара, куһаҕан сонуннаах эргиллибиттэрэ. Онтон ыла бу дьиэҕэ олох тохтообутунуу барыта курус буолбута, айманан да ытаан да күндү киһилэрин эргитэр кыахтара суоҕа. Саша ийэтэ ол кэннэ уолун аһыытыгар охтон баран өрүтүммэтэҕэ. Онон Даайа утуу-субуу икки күндү киһитин олохтон атаарбыта. Олоҕун сырдатыах эрэллэрэ кыыстара хаалбыт буолан кинини киһи гынан олоххо сирдиир эбээһинэс соҕотох Даайа санныгар сүктэриллибитэ. Ити кэннэ баҕалаах үөрэх ончу олохтон сүппүтэ, үлэннэн эрэ дьоллонон баччаҕа тиийдэ. Үлэтинэн дьиэ биэрбиттэрэ да дьонун кэриэстээн бу дьиэттэн тахсыбатаҕа, бу муостаҕа Саша аан бастаан тоотоҥнуу хаамтаҕа, онтон кыыстара. Дьиҥэ Саша наһаа баҕарар этэ Даайа баҕалаах үөрэҕэр үөрэниэн. Үөрэххин бүтэрдэххинэ дьэ иэспиттэн төлөрүйүөм диэн мичиҥнии турара бу баарга дылы.
Даайа бу күннэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн киҥинэйэн ыллыы сылдьар. Кыыһа баҕалаах юрист үөрэҕэр киирбитин иһитиннэрдэ. Онно эбии ыраах сиртэн сылдьар оҕолорго уопсайдарын тутатына биэрэллэрин таһынан сайыҥҥы кэмҥэ үлэлэтэн хамнастыыр лааҕырдаах эбиттэр. Оҕотун номнуо ахтыбыт ийэ кыыһын үөрэххэ киирдэҕинэ кэлэн барыа дии санаабыта кэлбэт буолбут. Даайа бу күннэргэ Дьокуускай куоракка кэтэхтэн үөрэххэ туттарса бараары хомунар. Ким билиэй баҕар баҕалаах үөрэҕэр киирэр дьолу, Сашатын эрэлэ хойутаабатаҕа буолаарай... Сэргэлээх барахсан бэйэтэ да билбэтинэн элбэх киһини дьоллоон, сороҕун ытатан ыыталаатаҕа. Бүттэ
Автор: Кыыс Мунду 1 июня
Ардах тохтуу-тохтуу кэлэн түспүтэ хас да хонно. Бу сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ ардах уһаан-тэнийэн бараары гыннаҕына, дьон-сэргэ уйаларыгар уу киирэн туох да буруйа суох халлааны кытта үөхсэн ылааччылар. Саха киһитигэр сайыҥҥы күннэр олус былдьаһыктаах буоланнар илиилэрин үлэттэр араарбакка, үрүҥ күнү көрбөккө түһүнээччилэр. Онтон бу быыкаа дэриэбинэ ортотугар турар дьиэ түннүгэр олорор эдэрчи дьахтар ардах түһэрин саҥа көрбүттүү сонурҕаан олорбута хаһыс да хонуга. Кинини манаан көрөр киһи баара буоллар бу эрэ түннүккэ анаан төрөөбүт диэ эбитэ буолуо. Даайа кыыһын үөрэххэ туттарыһыннара ыытан баран чуҥкуйан, оҕотун суохтаан тэһийбэккэ ааһар дьону одуулаһар. Кыыһа Галя быйыл оскуолатын бүтэрэн юрист үөрэҕин баһылаары киин куоракка барбыта. Барбакка эрэ биир кэлим экзаменнар түмүктэринэн докумуоннарын эрэ ыытаары гыммытын ийэтэ буолбакка барбыта. Оҕолору да кытта билсиэ, куораты да көрөн удумаҕалатан үөрэнэригэр чэпчэки буолуо дии санаабыта. Оннук буолуон ийэтэ бүк эрэнэр. Дьиҥэ Даайа кыыһын саха салаатыгар ыытыан баҕарбыта, кини оҕо сылдьан ымыы гыммыт ыра санаатын кэлин сиппэккэ мин туолбатах ырабын оҕом ситиэ диирэ. Онто олох атыннык эргийэн тахсыбытыгар олус хомойдор да хайыай, кини кыыһа бэйэтэ тус санаалаах, эмиэ кини курдук ыра санаалаах киһи буоллаҕа. Даайа оҕо сааһа оҕо дьиэтигэр ааспыта. Төрөппүт ийэлээҕин дуу, аҕалааҕын дуу билбэккэ улааппыта. Төһө да тулаайах буолар сорун билбэтэр, кини төрөппүт дьонугар кыһыйа саныыр. Онон кини төрөппүттэрин туһунан тугу да күн бүгүнүгэр диэри билбэккэ сылдьар, дьиҥэ билэ да сатаабат. Кинини куруук ньээнньэнэн оҕо дьиэтигэр үлэлээбит эбээтэ көрөн-истэн улаатыннарбыта. Оҕолортон барыларыттан чорботон кинини эрэ кытта бодьуустаһара, кэлин кыыһы бэйэтин аатынан суруттаран ыла сатаабытын сааһыттан иҥнэн биэрбэтэхтэрэ. Маҥан сыбахтаах дьиэлэргэ сырыттаҕына кини куруук оҕо сааһын, эбэтин санаан кэлэн уйадыйан ылааччы. Эбэтэ куруук киниэхэ кинигэ аҕалар этэ, ол да иһин буолуо кини саха литературатыгар сыста улааппыта. “Төлкө”, “Сааскы кэм” романнары сыттыгын анныгар укта сылдьан ааҕара. Оскуоланы үчүгэйдик бүтэрбитэ. Эбэтэ барахсан кыыһы күүһүнэн кэриэтэ үөрэххэ туттарыһыннара Дьокуускайга ыыппыта. Кыра харчы сыыстаах, кумааҕыга ыйыллыбыт аадырыстаах киин куораты булбута. Хаһан да харахтаан көрбөтөх дойдутугар кэлэн кус оҕолуу муммута. Син докумуоннарын туттаран тургутуулары ааһан испитэ да бүтэһик тургутуутугар бэһис автобуска атын өттүнэн олорсон куорат биир уһугар тиийэн хаалбыт этэ. Төттөрү айаннаан кэлиитигэр тургутуулара номнуо ортолообут этэ, онон кинини баҕалаах үөрэҕэр ылбатахатара. Докумуоннарын тутан култуура уонна искусство училищатыгар тиийбитин бэрт кэбэҕэстик худруг идэтигэр киирэн хаалбыта. Онон кини төһө да баҕарбатах үөрэҕэ буоллар син үөрэххэ киирэн, уопсайга ылыллан сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, эбээтин эрэлин түһэн биэрбэтэҕэ. Кини үөрэхтэнэн киһи буолан эбэтин кытта олоруон баҕарара да ол баҕа санаата туолбатаҕа, эбэтэ кыыс маҥнайгы үктэлгэ үөрэнэ сырыттаҕына олохтон туораабыт этэ. Кини ону олох кэнники кистээбиттэрин, 40 хонуга ааспытын эрэ кэннэ билбитэ. Баҕар үөрэнэ сылдьар кыыһы үөрэҕиттэн аралдьытыахтарын, харчыта да суоҕунан сатаан кэлбэтин сэрэйэн аймаабатахтара буолуо диэн Даайа хом санаабатаҕа. Үөрэҕэ бэрт үчүгэйдик саҕаламмыта. Манна да сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар үөлээннээхтэрэ баарыттан үөрбүтэ. Үөрэхпин бүтэрдим да үрдүккэ туттарсыам дии саныыра. Ол да иһин буолуо кини бу үөрэҕэр олус кыһаллан, ханна да аралдьыйбакка үөрэнэр этэ. Биир эмэ соло күнү буллаҕына Саха Государственнай Университетын диэки хаамара, баҕалаах үөрэҕэ кинини оннук угуйар этэ. Биир эмэ дьүөгэлээх да буолбаппын сатаатар уопсайдарын иһин көрбүт киһи дии саныыра. Кини санаатыгар оҕолор бары түмсэн, төгүрүччү олорон “Сэргэлээх” диэн ырыаны ыллаан эйээрэр курдуктара. Сып сырдык түннүк нөҥүө өр туран баран уопсайын диэки хоочугуруу хаамара, дьиҥэ кини онно өссө да туруон чараас таҥастааҕа мэһэйдиир курдуга. Кини аттынан бэрт мааны таҥастаан оҕолор аастахтарына кыбыстан умса көрөрө, манна киирбэтэҕим да үчүгэй хаһан кинилэргэ кытта тэҥнэһээри диэн санаан ылааччы. Кини чуҥкук олоҕун Саша диэн олус элэккэй, сайаҕас уол аймаабыта. Уол куруук кыыһы манаһара, киинэҕэ ыҥырара. Даайа бастатан туран үөрэх диэн бүччүм санаатын уол сэрэйэр этэ. Бу олус борустуой, аҕыйах саҥалаах кыыһы Саша ийэтигэр майгыннатан олус чугастык ылыммыта. Даайа бастаан кэтэҕэмэйдээн баран уолу бэйэтигэр чугаһаппыта. Иккиэн сиэтиспитинэн үөрэнэ бараллара, үөрэхтэриттэн уопсайга кэлэллэрэ. Киинэҕэ, катокка сылдьаллара. Сааскы тургутууларын иккиэн үчүгэйдик туттаран
ханна сынньана баралларын быһаарсыбыттара. Даайа барар сирэ суох буолан куоракка үлэ көрдөһө хаалыам диэбитин Саша миигин кытта барыс диэн хаайан кыыһы дойдутугар илдьэ тахсыбата. Саша аҕата эрдэ олохтон туораабыт буолан соҕотох ийэҕэ иитиллибит этэ. Ийэтэ олус холку, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах буолан Даайа наһаа сөбүлээбитэ. Ким оҕотоҕун, хантан, тугу гына кэллин диэн тыллары ыһыктыбакка, өр кэтэспит ыалдьытын курдук көрсүбүтэ. Бу көрсүһүүттэн кини олус үөрэн, долгуйан хаһан эрэ сүтэрбит дьоннорун булбуттуу үөрбүтэ. Саша соҕотох ийэҕэ иитиллибит буолан эбитэ дуу кыыс аймахха ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара, олоҕун хайдах олоруохтааҕын бэркэ анааран толкуйдаан ыраҥалыыра. Даайа бу дойдуну наһаа сөбүлээбитэ сирин аһа дэлэйин, бултаах-астаах, көбүс көнө алаастардаах этэ. Биир киэһэ Саша Даайа иннигэр тобуктуу түһээт “Миэхэ кэргэн буол, олоҕум устата эйигин эрэ таптыам” диэбитин кыыһа мин үөрэниэхпин баҕарабын, биирдэ бэриллибит олохпор эдэр сааспын сэргэлээҕи кытта ситимниэм диэбитин, иккиэн бу үөрэхпитин бүтэрэн тутуспутунан барыахпыт диэн элэ-была тылын этэн син кыыс иннин ылбыта. Онон Даайа бу ыалга кийиит буолан хаалбыта.Куоракка киирэн Саша үөрэҕин быыһыгар концертарга ыллыыр, үҥкүүлүүр ону таһынан куруусчуттуур буолан устуодьуннуур сылларыгар туох да кыһалҕаны билбэккэ олорбуттара. Эрдэ олохтон туоруурун билбит курдук кэргэниниин этиспиттэрэ да суоҕа, куруук ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьыбыта. Үөрэхтэрин бүтэрэллэрин саҕана Даайа оҕо күүтэрэ биллибитэ, онон кинилэр Саша дойдутугар тахсыбыттара. Кулууп дьиэтигэр биир эрэ миэстэ баарыгар Даайа киирбитэ, онтон Саша инники тырахтарыыстыы сылдьыбыт буолан дьоҥҥо от-мас тиэйэр этэ. Оҕолоро күн сирин этэҥҥэ көрбүтэ, эдэрдэр үөрүүлэрэ муҥа суоҕа. Саша ийэтэ сынньалаҥҥа олорор буолан оҕо көрсөн абырыыр этэ, онон Даайа үлэтигэр уоппуска кэнниттэн тута тахсыбыта. Сайын кэтэхтэн үөрэххэ туттарсаары бэлэмнэнэрэ. “Оо бу санаатахха Сашабын ити да үөрэҕинэн сулуйан сордуур эбиппин, миигин үөрэттэрээри суорума суолламмыта буолбаат”- диэн санаалаах элбэхтик да үөһээ тыыныы, харах уулаах күннэр аастахтара. Ол сахха Даайа эдэрэ да бэрт буоллаҕа, олоҕу билбэтэх киһи баҕа санааннан сирдэтэрэ. Көмүс кытахтан төкүнүйбүт дииллэринии, дьиҥэ киһи сирбэт олоҕор олорбуттара, иккиэн үлэлээх, олорон эрэр дьиэлээх этилэр. Биир кыһыҥҥы аам-даам тымныыга Саша от тиэйэ ыраах алааска айаннаабыта, оту тиэйэн кэлэн иһэн күөлгэ муус уйбакка ууга түһэн олохтон былдьаммыта. Ол киэһэ өр да күүттүлэр этэ, киэһээҥҥи халлаан тымныыттан тыйыһырара, күүттэххэ уһунуттан бары им-ньим баран тыаһы эрэ иһиллии сылдьыбыттара. Ыксаан бураннаах дьону көрдөһөн ыыппыттара, куһаҕан сонуннаах эргиллибиттэрэ. Онтон ыла бу дьиэҕэ олох тохтообутунуу барыта курус буолбута, айманан да ытаан да күндү киһилэрин эргитэр кыахтара суоҕа. Саша ийэтэ ол кэннэ уолун аһыытыгар охтон баран өрүтүммэтэҕэ. Онон Даайа утуу-субуу икки күндү киһитин олохтон атаарбыта. Олоҕун сырдатыах эрэллэрэ кыыстара хаалбыт буолан кинини киһи гынан олоххо сирдиир эбээһинэс соҕотох Даайа санныгар сүктэриллибитэ. Ити кэннэ баҕалаах үөрэх ончу олохтон сүппүтэ, үлэннэн эрэ дьоллонон баччаҕа тиийдэ. Үлэтинэн дьиэ биэрбиттэрэ да дьонун кэриэстээн бу дьиэттэн тахсыбатаҕа, бу муостаҕа Саша аан бастаан тоотоҥнуу хаамтаҕа, онтон кыыстара. Дьиҥэ Саша наһаа баҕарар этэ Даайа баҕалаах үөрэҕэр үөрэниэн. Үөрэххин бүтэрдэххинэ дьэ иэспиттэн төлөрүйүөм диэн мичиҥнии турара бу баарга дылы.
Даайа бу күннэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн киҥинэйэн ыллыы сылдьар. Кыыһа баҕалаах юрист үөрэҕэр киирбитин иһитиннэрдэ. Онно эбии ыраах сиртэн сылдьар оҕолорго уопсайдарын тутатына биэрэллэрин таһынан сайыҥҥы кэмҥэ үлэлэтэн хамнастыыр лааҕырдаах эбиттэр. Оҕотун номнуо ахтыбыт ийэ кыыһын үөрэххэ киирдэҕинэ кэлэн барыа дии санаабыта кэлбэт буолбут. Даайа бу күннэргэ Дьокуускай куоракка кэтэхтэн үөрэххэ туттарса бараары хомунар. Ким билиэй баҕар баҕалаах үөрэҕэр киирэр дьолу, Сашатын эрэлэ хойутаабатаҕа буолаарай... Сэргэлээх барахсан бэйэтэ да билбэтинэн элбэх киһини дьоллоон, сороҕун ытатан ыыталаатаҕа.
Бүттэ