Главная / Кэпсээ / Саатар манна суруйан санаам чэпчиирэ дуу
Добавить комментарий
Автор: Бу мин мин 4 июня
"Күндү Маша уонна Миша! Ыал буолан алаһа дьиэни тэринэр, аал уоту оттунар, алтан сэргэни туруорар үтүө-мааны күҥҥүт күөгэйэ үүммүтүнэн сахалыы айхал, урааҥхайдыы уруй буолуохтун! Сүүс-сүүскүтүттэн өйөнсөн сүүс сааскытыгар диэри тапталгыт кутаа уотун умулларбакка, харыстаан тиийиҥ! Кэлэр кэнэҕэски кэскилбитин кэҥэтэн элбэх кырачаан оҕолордонооруҥ! Алаһа дьиэҕит иһэ оҕо чугдаарар куолаһынан туоллун! Аччыктаабыты ириэрэр, быстыбыты салгыыр, эйэҕэс майгылаах, аһыныгас сүрэхтээх үчүгэй ыал аатын ылан, толору силигилээн олоруҥ! Бар дьон махталын ылан, мааны ыал буолуҥ! Толору дьоллоох буолуҥ!" - диэн тыллар бу күн кинилэргэ эрэ анаммыта. Ол курдук Уруу тэрийэн, ыраах-чугас аймахтарын, доҕотторун мунньан, дьоллорун холбообуттара, саҥа ыал үөскээбитэ. Оҕолонон, үлэлээн-хамнаан эдэр ыал дьоллоохтук олохторун саҕалаабыттара. Билиэхтэрэ эбитэ дуо ол кэмҥэ, сэрэйиэхтэрэ эбитэ дуу ол бириэмэҕэ олох оонньуура буолуохтарын, куруук маннык дьоллоохтук олорботторун. Кэргэн кыыс үһүс оҕотун оҕолонон олорор, эр киһи кэнники бириэмэҕэ үлэтигэр өр буолара элбээн иһэр, үлэ элбэҕинэн ааттыыр. Маша сэрэйэр сэрэйиитэ күүһүрэн иһэр, ол да иһин буолуо үксүн санаата түһэн сылдьар, кыраттан кыыһырара, хаппырыыстыыра элбиир. Кэргэнин түүннэри кэтэһэн утуйбат, телефонунан сотору сотору эрийэн ирдэһэр. Үлэлэригэр бырааһынньыктара да элбэх буолан иһэр, Миша аны дьиэтигэр хоно кэлбэт буолан барда, быһаарыыта аһары элбэҕи испиппин диэн буолар. Ол курдук дьиэтигэр хас да күн кэлимиэн сөп. Аны кэллэҕинэ наар кыыһыра, тымтыктана сылдьар буолар, телефонун илиититтэн ыыппат, наар тугу эрэ суруйар, ардыгар истиэнэҕэ элээрдэн кэбиһэр идэлэммит. Биирдэ Маша кэргэнэ утуйа сыттаҕына телефонун ылан көрөргө быһаарынна. Социальнай ситими арыйбыта биир коллегатын кытта суруйсубутун булан аахта... Ааҕа олорон хараҕын уутун туттуммата, кэргэнэ тапталга атын киһиэхэ билиммит, кинини эрэ ахтарын-саныырын туһунан суруйбут. Күүстээх санаатын киллэрэн кэргэнин коллегатыгар суруйда, ыйыталаста. Эппиэт кэллэ... буруйум суох, эрин бэйэтэ миигин сырсар, кинилиин буолар санаам суох диэтэ... Ол кэннэ туох да уларыйбата, сүтэрин курдук сүтэр, настроенията наар куһаҕан. Биирдэ кэргэнэ куоракка массыына оҥотторо киирдим диэтэ уонна үһүс күнүгэр кэллэ. Утуйа сыттаҕына Маша эмиэ телефонун ылан көрдө... Гостиница... Көрсүбүттэр... Таҥнарбыт... Кэлэйии... Харах уута... Арахса сылдьыы... Аннараа да дойдуга бара сатааһын... Оҕолорун, төрөппүттэрин аһыныы... Онтон ыла олохторо уруккутун курдук буолбат, бииргэ олороллор эрээри, оҕолор туһугар эрэ... Истиҥ сыһыан суох, иэйии суох, таптал суох, кэнники хайдах буолаллара биллибэт... Көстүүтүгэр күлэр-үөрэр, кэпсэтэр-ипсэтэр, онтон соҕотох хааллаҕына, дьоно утуйдахтарына хараҕын уута тиийэн кэлэр, маккыраччы ытыыр, урукку олоҕун саныыр, ахтар... Хас да сыл ааста эрээри дууһата хас күн аайы айманар-ытыыр, бириэмэ эмтиир дииллэр даҕаны ыарыыта күнтэн күн күүһүрэн иһэр. Ама куруук маннык олоруо дуо, эбэтэр туох эмит уларыйыы буолуо дуу??? Кэнники дьүөгэлэриттэн, билэр дьонноруттан истибитэ кинилэр сыһыаннарын элбэх дьон билэллэр-көрөллөр, сэрэйэллэр эбит. Дэриэбинэ да буолан буолуо, туох да кистэммэт, барыта көстө сырыттаҕа...