Оксана, бүт эрэ! Бэйэм да ону билэбин, Митээ да билэр. Мин кинитэ суох сатаан олорбоппун, ол эрэн эмиэ да оҕолонуохпун баҕарабын. Отой да мунан баран сылдьабын.
Оччоҕо оҕолоох дьоҥҥо оҥоттор ээ уонна Митээ оҕотун курдук тутун. Син биир билиэ суоҕа.
Сымыйа, сымыйа, сымыйа!!! Бар мантан уонна хаhан да миигин көрсө сатаама да, кэпсэтэ да сатаама! Истэҕин дуо?! Бар диибин! - Маайа ытыы-ытыы хаhыы бөҕө түһэрдэ.
NikBas - 24 августа 2013 23:05
19.. сыл. Күһүн. Айылҕа, сайыҥҥы куйаастан сылайан сөрүүн тыалга өрө тыыммыттыы, кыһыл-көмүс симэҕин бүрүнэн уоскуйбуттуу ньимийдэ. Маннык кэрэ түгэҥҥэ туох да алдьархайа аанныа суоҕун курдуга. Роддом иннигэр биир эдэр киһи төттөрү-таары хаама сылдьара көстөр... Бу сайыны быһа Миитэрэй саҥа роддом тутуутугар үлэлээбитэ. "Кэргэним манна төрүө уолбутун!" - диэн куруутун бииргэ үлэлиир дьонноругар кэпсээн оҥосторо. Ким да билбэт этэ - тоҕо уол оҕо төрүө диэн бүк эрэллээ5ин. Бииргэ үлэлиир дьоно эмиэ сөҕөллөрө.
Маайа Оксана бүтэһик этиитин истибэтэҕэ буолла уонна кэпсэтиилэрин туох да суолтата суох түмүгүнэн түмүктээт сотору дьиэтигэр барда. Муус устар ый ортолоон эрэр. Саас хайыы үйэ кыһыны үтүрүйэн сылаас тыынынан сири-дойдуну ыга кууспут. Киэhээҥҥи салгыҥҥа туох эрэ биллибэт күүс Маайа кистэлэҥ санаатын таайбыттыы чуумпуга ыйанан турда. Кыыс оргууй хааман иhэн дьүөгэтэ эппит тылларын өйүгэр хат-хат эргитэ саныы истэ. "Ол эмиэ тоҕо интириэhиргиир баҕайыный? Сымыйаннан дьаабыланар ини. Кини буолан баран үчүгэйгэ сураспатаҕа буолуо. Савва дьигинэн миэхэ куруук киһилии сыһыаннаһара, атаҕастаабат этэ. Атын, туора дьоҥҥо сыһыана кытаанах соҕус. Кини атаах, бэйэмсэх, киhиргэс. Ол эрэн миэхэ атыннык, эйэҕэстик сыhыаннаhара дии, ону утарар эммиэ табыллыбат", - диэн толкуйдуу-толкуйдуу дьиэтигэр тиийбитин билбэккэ да хаалла. Биир күн Митээ суоҕуна эмискэ телефон тыаhаата, кинилэр саҥа телефон киллэриммит буоланнар нүөмэрдэрин отой аҕыйах киhи билэрэ. Маайа трубканы ылла.
Ити курдук син кэпсэтэ түһэн баран бүттүлэр. Аҕыйах кэм устата кэпсэтэллэрэ элбээн истэ. Ону-маны ырыталлара, саныыллара, ахтан аhараллара. Митээлиин итинник кэпсэппэт буолан Маайа Савва эрийэрин кэтэhэр курдук буолбута. Эрийбэт түгэнигэр суохтуур, Савваны мөҕүттэр буолбутуттан бэйэтэ да соһуйара. Бу күннэр тухары Савва курдук болҕомтолоох истээччи, эрэллээх доҕор суоҕун кэриэтэ буолла. Аны туран Митээттэн кистээн кэпсэтэр буолан бэйэтин туох эрэ буруйдаах киhиннэн ааҕара уонна онтон сылтаан кэргэнигэр кыралаан кыыһырар буолбута. Уол үлэтиттэн эрдэ кэллэҕинэ сөбүлээбэтэхтии көрсөрө, өрөбүл күннэр үлэ күннэрин күүтэрэ. Савва Митээ суоҕар эрэ эрийэрэ. Аҕыйахта көрсөннөр урут бииргэ сылдьар эрдэхтэринэ сөбүлээн кэрийэр сирдэринэн хаамсыбыттара. Ааспыт кэмнэри ахтыы, оҕо саастарын бэлиэ сирдэрэ Маайаны иккистээн долгуппуттара, уйулҕатын аймаабыттара. Ол эрэн онтон ырааппаттара. Маайа кэргэнин таптыырын билэрэ, Савва кэпсэтииттэн уонна биирдэ эмит тэҥҥэ хаамсыыттан элбэҕи ирдээбэт курдуга. Урут сылдьар да эрдэхтэринэ Савва бэйэтигэр элбэҕи көҥүллээбэтэ. Савва кинини кууһуон, ууруон, чугаһыан баҕарталыыр буолан эрэриттэн кыыс долгуйара да, куттанара да. Кыыс биир эрэ эр киһини билэрэ - Маайа Митээлиин маҥнайгы түүнүн билбитэ. Маайа Савваҕа биллибэтинэн ылларан испитэ. Кини аттыгар толору арыллара, санаатын аhаҕастык этэрэ. Туттардыын-хаптардыын уларыйара, тыына кэҥииргэ дылы буолара. Митээ ый ортото командировкаҕа барбыта. Дьэ көҥүл тыына Маайа сүрэҕин өрө мөҕүһүннэрдэ. Күнү быhа телефон үрдүгэр олороро, сороҕор Савва дьиэтигэр диэри атаарарын сөпсөһөрө. Биир оннук атаарыы, кэнниттэн Савва кыыhы сыллаан ылла. Маайа утарыласпата даҕаны, хайдах эрэ ис иhиттэн баҕаран кэллэ. Онтон куттанан дуу, хайдах дуу Савваны ытыhан иэдэскэ сырбатта. Бөтүрүөп соhуйан кэннин диэки хааман биэрдэ.
Оксана бу киэhээ Савваны күүтэр. Эрдэттэн ас астаан, дьиэтин хомуйан, бэйэтин оҥостон баран кэтэhэн олордо. Савваны оскуола саҕаттан таптыыра. Ол санаатын кимиэхэ да эппэккэ иhигэр тута сылдьыбыта. Маайа - бастыҥ дьүөгэтэ, ол иhин Савваҕа чугаhаабат этэ. Хайдах курдук түүннэри ытыырын, подругатын уонна тапталын икки ардыгар сүрэҕэ хайдарын ким да билбэт этэ. Оксана кыратыттан сытыы, киирбит-тахсыбыт кыыс. Кэнники сылларга элбэх туора сырыыларынан аатырдар этилэр. Баҕар сатамматах тапталтан буолуо, баҕар өссө туохтан эмитэ буолуо - ону Оксана билигин бэйэтэ да билбэт. Кини Маайаны кырдьык дьүөгэтин курдук таптыыра, астынара, киэн туттара. Онтон билигин Маайа ыал буолбутун кэннэ Савва кинини дьэ көрбүтэ. Оо, хайдах курдук кыыс сүрэҕэ онно үөрбүтэ буолуой! Дууhата ыллыыра, санаата сайҕаммыкка дылы буолбута. Билигин Савва киниэнэ эрэ! Савваны кимиэхэ да биэрбэт санаалааҕа. Савва эмиэ итирик кэллэ, өссө аргы кыбыныылаах. Баҕардаҕына кэлэр, баҕардаҕына барар. Көрдөрбүтүнэн дьахтардыыр, көҥүл-босхо сылдьар. Итирик кэллэҕинэ аны киэбирэр идэлэээх. Куруутун Маайаны ахтара, Оксананы кытары тэҥниир буолбара. Сороҕор отойдуун да кырбаан кэбиhэрэ. Оксана, саҥа таптал уотугар умайан эрэр кыыс, онно эрэ кыhаллыбат курдуга. Оннооҕор бу кэнники күннэргэ Савва Маайалыын кэпсэтэллэрин, бииргэ күүлэйдииллэрин билэрэ да эмискэ кэлбит дьолун сүтэрбэт туhуттан киhитигэр күнүүлээн игин айдаарбат этэ. Куттанара да, таптыыра да. Киhитэ кэллэҕинэ иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьан ас амтаннааҕын бэлэмниирэ, орон сымнаҕаhын тэлгиирэ. Бүгүн эмиэ аан тыаһын истэн сүрэҕэ үөрэн мөҕүстэ, чаанньыгын оргута туруорда. Савва киирдэ киирээт, атаҕын да таҥаһын устубакка, остуолга кэлэн олордо. Оксана сэрэйдэ, Савва эмиэ туохтан эрэ кыыhыра сылдьарын, ол иhин өссө төгүл кыhаллар.
Маайа Оксаналыын кэпсэтэн баран күнү быһа санаата буолбакка сырытта. "Тугу этээри гыммыта буолуой? Сороҕор кырдьык мээнэни да туойбутун иhин ардыгар син киhи сэҥээрэр дьыалатын этээччи. Хайаан да булгуччу сирэй көрсөн олорон кэпсэтиэххэ наада", - диэн түмүккэ кэллэ. Киэhээ телефоннуу сатаата да ким да эппиэттээбэтэ. Маайа дьүөгэтин билэрэ бэрт буолан долгуйа санаата:"Кини киhи бачча эрдэ утуйбат. Күүлэйдии да барбат. Нэдиэлэ ортото кими да мунньубат идэлээх. Оччоҕо тоҕо телефонун ылбат, бара сылдьыбыт киhи дуу?" Ити курдук санаалаах олорбохтуу түһэн баран Оксанатыгар бара сылдьарга быhаарынна. Хап-сабар хомуна охсон баран хараҥа суол устун Оксана дьиэтин диэки хаама турда. Кыыhын дьиэтигэр чугаhаан иhэн көрдөҕүнэ кухня эрэ уота умайар, уонна ааҕы түннүктэр кураанах хараҥаннан оҥойон көрөллөр. Эмискэ этин сааhа аhыллан "дьик" гына сиhин иэнэ кэдэҥнээтэ. Кухня түннүгэн көрдөҕүнэ хайдах эрэ эр киhи остуолга олороро көстөргө дылы. Көхсүттэн эрэ көстөр буолан ким буоларын кыыс быһаарбата. "Хайалара бачча түүннэри ыалдьыттаатаҕай? Чэ, эдэр, холостуой кыыс бэйэтэ билэр кими ыалдьыттатарын. Түргэн соҕустук тугу этиэн баҕарбытын ыйыталаhан баран дьиэлиэм", - диэн санаалаах ааны кыратык тоҥсуйаат дьиэҕэ киирдэ. "Дорооболоруҥ", - кыыс кухня диэки ааста. Киирбитэ Савва итирик олорор эбит. Лаппа итирик Савва Маайаны дьэ өйдөөн көрөн баран кыратык өйдөммүккэ дылы буолла, остуолтан туран утары хааман кэллэ. Маайа Савваны манна эрэ көрүөм суоҕа дии санааттан дуу, туох эрэ ыарахан тыын кухня салгыныгар кытаанахтык хатаммытын этинэн-хаанынан сэрэйэн дуу - соһуйбут уонна саллыбыт омунугар хамсаабакка да турда. Савва отой ыкса ыган кэллэ. Маайа тугу да этиэн билбэккэ соҕотохто:" Оксана ханна бар...", - диэн иhэн ах барда. Остуол анныттан хаанынан бүрүллэн баран былыр-үйэ сойон хаалбыт, аhаҕас харахтарынан "Быыhаа" диэбиттии көрөн сытар Оксананы дьэ өйдөөн көрдө. Маайа ити ынырык көстүүттэн хараҕар хараҥарда, кыратык туймааран ылла. Саҥа таhааран кыайан да хаhыытаабата. Савва Маайа куттаммыт сирэйин көрөн дэлби астынна, эбии иирэн кэллэ. Утарылаhар да кыаҕа суох турар кыыhы баттаҕыттан харбаан ылан, суhуоҕун сутуругар эрийэн баран Маайаны бэйэтигэр сыhыары тарта. Кыыс ыарыытыттан харахтарын быhа симтэ. Савва аҥылыйар аргы сыттаах айаҕын кыыс сирэйигэр ыкса чугаhатан баран хаhыытаан тоҕо барда:"Көр Маайа, эн тускар ити хайаҥаhы кырбаатым! Эн тускар! Эйигин кытары тэҥниир бэйэтин! Тиийбэт эйиэхэ!" - Савва кытарбыт харахтарын Оксана сытар сирин диэки бырахта, - "Маайа, эн миэнэ буол, барытын биэриэм! Баҕарбытын барыта эйиэнэ буолуо! Эппиэттээ! Саҥар диибин дии! Эбэтэр ити подруган курдук сойуоххун баҕарын дуу?! Этиий сүөһү!!!" Савва отойдуун да куттанан халыр-босхо барбыт кыыhы быардаан куугунутта, Маайа икки бүк тосту токуруйан баран муостаҕа охтон түстэ. Итирик дьиккэр сүүрэн тиийэн былыр үйэҕэ сойбут Оксананы сирэйгэ тэбэн саайда. Төттөрү сүүрэн кэлэн эмиэ Маайа баттаҕар түстэ, ол курдук баттаҕыттан соhон хоско состо:"Эн миэнэҕин Маайа, эн миэнэҕин! Билигин баҕас иннигин ылар инибин, эн да хайаҕаhын көмүс буотах ини! Билигин ону көрүөхпүт!" Маайа өйдөммүтэ халлаан син сырдаан эрэр эбит. Ытыыр да сэниэ суох. Этэ барыта көһүйэн хаалбыт курдук, ахтатын икки арда уотунан умайар, ыалдьар. Атахтара хайдах эрэ сап-салыбырастар. Түөстэрэ бүтүннүү тиис суола, илиитэ, атаҕа күп-күөх. Кыыс этин ыарыытыттан ордук дууһатын ыарыыта аймалҕан буолан өйүн-санаатын холоруктуу быһа илгийэн, ытыйан аймыыр:"Билигин дьон барыта мин кирбин билиэ. Митээ хайдах маннык дьахтары кытары олоруой, кирдээх кыыhы таптыа суоҕа. Ким да билбэтин, ким да билиэ суоҕа." Хостон тахсыан куттанан өр соҕус сытта. Иһиллии сатаата да уу-чуумпу. Ханна эрэ кухняҕа дуу, саалаҕа дуу чаһыы тыаһа иһиллэр. Аҕыйах ордубут таҥаһын уонна сороҕун Оксана таҥаһын булан нэһиилэ таҥнан, салҕалас буолбут атахтарынан оргууйдук үктэнэн, охто сыhа-сыhа кухняҕа таҕыста. Савва суох. Маайа таҥаhын-сабын көннөстөн, сирэйин-хараҕын оҥостон баран, остуол аннын көрбөккө буола сатыы-сатыы милицияҕа эрийдэ.
Маайа аҕатын кэлэригэр көрдөспүтэ. Милициялар кэлэ иликтэринэ Уйбаан тиийбитэ. Маайа аҕатын көрөн баран ытыы-ытыы утары сүүрэн кэлэн кууһан ылла уонна туох буолбутун кэпсээтэ. Уйбаан кыыhын ынырык кэпсээнин туман быыhынан иһиттэ, хараҕа ууланан тулатын көрбөккө турбута.
Уол санаатыгар кэргэнэ киниттэн тугу эрэ кистиир курдук. Сүгүн да кэпсэппэт, ыйытыларыгар да сороҕор эппиэттээбэт. Тоҕо эрэ ороҥҥо да тымныйбыт. Куруутун төбөтө ыалдьар буолбут, биирдэ эмитэ чугаhаттаҕына отой да “көннөрү” сытар, ардыгар хара5ын уулара сүүрээччилэр. Онтон соһуйан уолбут бэйэтэ да улаханнык сыстыбат буолта. Митээ улаханнык онно санаатын уурбат буола сатыыра, ол эрэн куhаҕаны толкуйдуура элбээн истэ. Өйдүү сатыыра барытын. "Билигин Маайата санаатын сааhыланыан наада, куттаммытын аhардыан наада. Ол эрэн син биир утох эрэ баар буолан итинник миигиттэн ыраатар, чугаhаппат буола тэйитэр. Ама ким эрэ баар дуу чахчы. Эс! Эмиэ мээнэ ону-маны толкуйдуу санаатым. Дьахтарга дылы кэбилэммэтэх киhи. Хата ол оннугар ол туhунан ыйытыам", - киhибит кэргэнин уорбалыыр буолла. Маайа хайыы-үйэ хотуолаан ыраатта, сирэйдиин-харахтыын уларыйда. Куруутун мэйиитэ эргийэн эрэйдиирэ, мэлдьи сэниэтэ суоҕа. Митээлиин хоонньоhоору гыннахтарына ис-иhиттэн сиргэнэрэ. Өйүнэн-санаатынан кини бэйэтин тапталлаах кэргэнинээн сытарын билэрэ да буоллар, хараҕар Савва хааннаах харахтарын уонна аргы сыттаах уостарынан сыллыы сатыырын ойуулаан бу баардыы көрөрө. Оччоҕо ытыах санаата кэлэрэ, Митээ хаhан бүтүөр диэри харахтарын быhа симэн баран сытара. "Тохтоо, бүт!" - диэн хааhыытыан баҕарара да хаhыытаабата. Санаатыгар Митээ онно барытын тута сэрэйиэх курдуга, оччоҕо быраҕан баран халыа диэн куттанара, ол иhин саҥа таhааран хаhыытыан, ытыан саллан сымаhаҕын быhа ытыран баран сытара. Итинник сыhыаннар таптаhар сүрэхтэри тэйиттэр тэйитэн истэ. Билигин Митээ урукку курдук дьиэтигэр ыксаабат, үлэтигэр араас сылтах булан хаала сатыыра. Маайа куруутун ыарытыйар курдук буолан балыаhаҕа көрдөрө барда. Быраас кыыска бэһиc нэдиэлэтин береманнайын туhунан эппитигэр Маайа олорор эрэ буолан охтон түспэтэ. Хайдах да буолуон билбэккэ саҥата суох дөйөн олордо. Быраас кыыhы нэhиилэ уоскутта. Балыаhаттан тахсан баран Маайа дьиэтигэр итинник сонуннаах тиийиэн куттанна, ханна да барыан билбэккэ суолга син өр турда. Онтон оргууй аҕатын аахха хаамта. Уйбаан баар эбит. Маайа ийэтэ Маарыйа элбэх саҥата суох, куруутун тугу эрэ түбүгүрэ сылдьар дьахтар. Олус сымнаҕас уонна эйэҕэс киһи. Оҕото сирэй-харах буолан кэлбитигэр аймана түстэ. Маарыйа Маайалаах Уйбаан кистэлэҥнэрин билбэт.
Маайа кыракый уутун быыhыгар ыарахан түүлү көрдө. Арай, түүлүгэр көрдөҕүнэ, Митээлиин бэйэлэрин дьиэлэригэр утуйаары сыталлар. Икки ардыларыгар хааннаах пеленкаҕа эhээхэй оҕо сытар, кыракый илиилэрин Маайа диэки уунар, үчүгэйдик аһылла илик харахтарыттан, харах уутун кэриэтэ, хаан тохтор:"Мама, мин олоруохпун баҕарабын! Туох да буруйа суохпар суорума суоллаама! Күн уота сырдыгыын! Сылааһын! Олох диэн кэрэтиэн! Ийээ, Маама, куруутун махтаныам эйиэхэ олохпун бэлэхтээбиккэр, бырастыы гын миигин кыылтан үөскээбит буруйбар! Маама, эйигин куруутун таптыаҕым, Маама! Миигин кууһууй!" - диэн ытыы сытта. Кыыс хаhыыра түһээт ойон турда, тымныы көлөһүн көхсүнэн сүүрүгүрэн сүрэҕэ эп-эппэҥнэс буолла. Уйбаан кыыhын хоһун аанын аттыгар манаан турбут курдук эмискэ хос иhигэр биирдэ баар буола түстэ. Сүүрэн кэлэн көмүһүн кууhан ылла.
Бүттэ чыычаах, бүттэ. Уоскуй, - дии-дии оҕотун төбөтүттэн имэрийэ олордо.
Папа, мин туох улахан аньыым-харам иhин маннык олоххо түбэстим? - кыыс аҕатыгар ыга сыстан куустуһан баран ытаан санна ыгдаҥныы сытта.
Кэбис, иннэ диэмэ... Күннэй, барыта үчүгэй буолу, - Уйбаан бэйэтэ уйадыйан куолаhа титиристиир.
Оҕону хааллардахпына... онтон арай Митээ дьиҥнээҕи биллэҕинэ хайдах буолабын?
Билиэ суоҕа! Ким да билбэт.
Митяны манна ыҥыран этиэххэ. Дьиэбэр тиийэн иккиэйэх бэйэбит буоллахпытына сатаан этиэ суоҕум. Папа, манна этиэххэ наада.
Оннук-оннук. Манна чыычаах, манна... Киэhээ Маарыйа ас арааhын астаан туох да мааны остуолу тэрийдэ, Уйбаан иhит аргыны ылан уурда. Митээ кэлбитэ бырааhынньык остуола, аргы турар - дэлби дьиибэргээтэ буолан баран саҥарбата. Маайа туох баар санаатын сутуругар ыга ылынан баран Митээтин, тапталлаах кэргэнин кууhан ылла.
Митя, эн дьиктиргээмэ туох бырааһынньыга диэн. Бу барыта улахан үөрүүттэн – мин... оҕо күүтэбин, - Маайа хараҕын уута ыгыллан кэллэ.
Кырдьык дуо? - уол долгуйан сатаан да саҥата улаханнык тахсыбата.
Эн биhиги кырачааммыт Митя. Биhиэнэ... - Маайыс кэргэнин кууhан туран күүскэ ытаата. Уол Маайатын ыбылы кууста уонна уохтаахтык уоhуттан уураан ылла. Билбэтэ кэргэнэ дууhата кыланан ытыырын. Митээ бу күнтэн ыла кэргэнин илиитин үрдүгэр илдьэ сылдьар бэйэтэ өссө төгүл кыhаллар буолла. Дьиэҕэ, тиэргэннэ отой тугу да гыннарбат айдаана. "Бачча кэлбит бэлэҕи харыстаа!" - диэн кэргэнэ ону-маны гынаары гыннаҕына иннигэр-кэннигэр түһэ сылдьан барытын бэйэтэ оҥоро сатыыр. Аһылык астыыр, дьиэ ис-тас үлэтин сүүрэ сылдьан оҥорор. Маайа ону көрө-көрө өссө ордук санаата хараастара, ытаан бөҕө буолара. Митээ ону кэлбит дьолтон үөрэн ыытыыр дии саныыра. Сайын саҕаланыыта Митээ отпускатын ылла. Оҕолоноору сылдьар киhи элбэх харчы наада буолуо диэн холтуура көрдөөтө. Биир бэркэ билэр доҕоро роддом тутуутугар киллэрдэ. Бииргэ үлэлиир дьонун кытта тапсан астыктык үлэҕэ киирдэ. Кырдьаҕас тутааччылар уолу олох астыналлар - үлэһит, барытын сатыыр, эйэҕэс, кырдьаҕастарга убаастабыла. Аны туран "уол оҕолонобун" диэн бүк эрэлэ кырдьаҕастары үөрдэрэ уонна сынньалаҥ кэмигэр сүрүн кэпсэтиилэрэ ол туһунан буолара. Сайын ортото саҥа Роддом дьиэтэ бүтэн эрдэҕинэ Савва суута буолла. Билигиҥҥи үйэҕэ биллэринэн следствие үлэтэ мөлтөҕө, Савва дьоно харчылара элбэх бириэмэни ылла. Суут анаммыт күнүгэр Маайа сүрүн свидетель быhыытынан барыахтаах. Митээ онно отой утарса сатыыр. Саҥа уоскуйан эрэр бэриэмэннэй кэргэнэ суукка кэлэн долгуйан хайдах буолуон сөбүн билбэт.
Чыычаах, аккаас сурук суруй! Барарын табыллыбат. Долгуйуон, ол туhугар оҕобутугар куһаҕан буолбат дуо?!
Митя, барар буоллаҕым дии.
Оччоҕо мин эмиэ барабын! - уол кэргэнигэр бастакы кытаанах этиитин эттэ. Суут дьиэтин иннигэр Савва халын аймахтара бөҕө мунньустан тураллар. Уйбаан массыыната кэлбитин көрөн бары күө-дьаа буола түстүлэр. Уйбаан өттүгэр аймахтара эмиэ бааллар. Улахан айдаан буолуон хата приставтар бэрээдэги нэhиилэ олохтоотулар. Судебнай залга быыстала суох киhи бөҕө. Маайа саатыан саатан, куттаныан куттанан суукка Митээни кытары киирдилэр. Суут түөрт күнү быһа буолла. Ол тухары Маайаны Савва аймахтара төһө элбэх ыыс-кырыыс тылынан үөхпүттэрэ биллибэт. Бириигэбэр ааҕыллар күнүгэр кыыс биллэ кубарыйан, саннылара бүк түһэн сирэйдиин-харахтыын уларыйда. Прокурор Савваҕа 12 сылы көрдөөтө. Судья ону ылынна. Баҕайы биэрбит сылларын истээт киһиргии олорбут сирэйэ хаахтыйан хатаччы хатта хараҕар хараҥарда. Бүтэһик тыл биэриилэригэр, хараҕынан Маайыhы дьон быыhыттан көрөн булан ылла. Маайа кэргэнин санныгар сыстан олорорун көрөн өһөҕө буста:"Этиэм тылбын. Бу, Маайа манна кэлэн кимнээҕэр үчүгэй киһи курдук кэмчиэрийэн олорорун көрөҕүт. Ити сирэйэ миигин эрэ албыннаабат! Дима командировкаҕа сылдьар кэмигэр миигинниин сылдьааччы. Оксанаҕа көрсөөччүбүт, хонооччубут. Ити иһэ үллүбүтэ барыта мин үлэм! Мин оҕобун илдьэ сылдьар. Кэргэнэ импотен! Манан бүттэ тылым!" - Савва улахан баҕайытык күлэн саһыгыраата. Кыыс отойдуун да дөйөн хаалла онтон Митээ отойдуун да тугу да өйдөөбөтө – соһуччуу дьиикэй сонун. Суут иhэ айдаан-куйдаан бөҕө буола түстэ, биир кэм кус-хаас аймалҕана. Улахан эрэйинэн сууту түмүктээтилэр. Савва прокурор көрдөөбүт сылларыгар хаайылларга уурулунна. Онтон Митээлээх саҥата суох тахсан бардылар. Дьиэлэригэр эмиэ уу-чуумпуга айаннаан тиийдилэр. Маайа биир кэм ытаан бөҕө, Митээ түннүгүнэн элэҥниир күлүктэри одуулуу олордо. Уйбаан тугу эрэ этиэх курдук көхсүн этитэр да саҥа таһааран саҥарбат. Эдэрдэри дьиэлэригэр хааллартаан баран дьиэлиир. Митээ отой саҥата суох буолла, кыыс ытыы-ытыы кэргэнин кытары кэпсэтэ сатыыр.
Митя, билэҕин эйиэхэ эрэллээхпин Савва сымыйаны кэпсиир! Кинилиин утуйбатаҕым! Митя, баhаалыста итэҕэйиий!
Кырдьык бииргэ көрсөөччүгүт дуо? - уол чуумпутук ыйытта.
Аҕыйахта телефон нөҥүө кэпсэппиппит уонна иккитэ-үстэ дьиэбэр дылы атаарбыта. Туох да биһиги икки ардыбытыгар суох этэ! Баhаалыста итэҕэйиий! - Маайа аймана олордо.
Хайдах?! Тоҕо оннугуй?! Кыррдьык билэр этин дуо миэхэ оҕо сатамматын?! - уол кыыс илиитин ыга тутта.
Ыалдьар Митя, ыыт. Эн толкуйдуурун курдук буолбатах. Савва атынны...
Саҥарыма! Өйдөөтүм эн кимҥин! – диэт, Митээй таhырдьа ойдо. Маайыс кэнниттэн хаһыытыы-хаһыытыы ыҥыра сатаата да кыаллыбата. Ыксаан кэнниттэн сүүрэн тахсыбыта хайыы-үйэ суола сойбут этэ. Маайыс аҕатыгар телефоннаата. Уйбаан, сибилигин соторутааҕыта барбыт киһи, төттөрү төннөн кэлэн, Маайыстыын Митээни көрдүү бардылар. Булбатылар. Милийияҕа сүппүтэ 3 суукка буоллаҕына биирдэ заявление ылабыт диэн буоллулар. Уйбаан кыыһын бэйэлэригэр илдьэ бараары гыммытын Маайыс буолуммата.
Арай Митя тиийэн кэллин? Хайаан да дьиэбэр кэтэһиэм.
Туох эмит буолла эрэ эрийээр. Сыллый, барыта үчүгэй буолуоҕа, - Уйбаан кыыһын сыллаан ылла уонна дьиэлээтэ. Аҕыйах күн иһигэр Митээ улууссаны кэрийэ сылдьан аргы амсайар буолла. Кыыс дьоно, кыыс бэйэтэ көрдүүллэр да булбакка сылдьаллар. Ханна эрэ баар үһү, аргылыыр сылдьар үһү – диэн сурахтары эрэ истэллэрэ. “Хата тыыннаах эбит, баар эбит”, - диэн Маайыс үөрэрэ эрэ. Уйбаан кыыһын доруобуйата мөлтөөбүтүн көрөн олус долгуйа сылдьар. Митээни булан кэпсэтиэн баҕата күүһүрдэр күүһүрэн иһэр. Ол курдук түүннэри-күнүстэри массыынатыгар олорон уолу көрдүүр идэлэннэ. Митээ ууга тааһы бырахпыттыы сири батары түһэн сүппүт. Маайаны Уйбаан бэйэтин дьиэтигэр аҕалбыт. Кыыс сотору-сотору кэргэнин ыйытар, ытаан бүппэт. Аны туран иһин түгэҕэ ыалдьан ыарытыйар буолла.
Папа, Митяны булан этин мин буруйдаахпын. Бырастыы көрдөһөрбүн. Тапталбын аҕалыый!
Митээй кэлиэҕэ чыычаах! Отой куттаныма! - Уйбаан тугу да кыайан көннөрөр кыаҕа суох абатыттан куолайыгар турбут хаhыытын ыйыста олордо. Маайа күн ахсын мөлтөөн сытан эрэ тахсар буолла. Уйбаан гараhыгар олордоҕуна аан арыллар тыаhа иhилиннэ.
Ким киирдэ? Ааҥҥын ыксары тарт, таhырдьа лаппа тымныйбыт, - Уйбаан дьаhайа олордо. Мин Митээбин кырдьаҕас, - күтүөтүн алдьаммыт куолаhа хааҕыргаата. Оҕонньор соһуйан буолта эрийэ олорбут күлүүhүн мүлчү тутан тыас-уус бөҕө таһаарда, онтукайыттан бэйэтэ улаханнык соhуйда.
Уйбаан, кэпсэтии баар.
Митээ, билэбин эн туох санааттан итинник буолбуккун. Кырдьыгын билиэххэ наада Митя. Истиэн дуу?
Эн барытын билэр этин! Миигин бары албыннаабыккыт! - Митээ холуочук хараҕар уоттар умайа кытардылар.
Митээй, олбу буолума! - Уйбаан күтүөтүн уолугар түстэ, - Савва Оксананы өлөрөр күнүгэр Маайа онно тиийэн быстаран биэрбитэ. Күүһүнэн ылбыт этэ. Миэхэ эрийэн ыҥырбытыгар тиийбитим оҕом сыыhа утары сүүрэн тахсыбыта. Көрүөххэ ыарахан этэ Митээй, - Уйбаан уолу ыытан кэбистэ... Бу алдьархай айдааҥҥа гараж иһигэр эмискэ Маарыйа ойон түстэ:"Маайыкка өйүн сүтэрдэ! Скорай ыҥырдым." Икки эр дьоннор кыратык тохтуу биэрдилэр, онтон дьиэ диэки сүүрдүлэр. Дьиэҕэ сүүрэн киирэн баран көрөллөр - Маайа ороҥҥо сытар, дьиэҕэ кэтэр холку халаатын түгэҕэ хаанын хаарыйбыт. Уйбаан тобуктуу түһэр, Митээ хойутаан да буоллар телефон үрдүгэр түһэр, онтон “Маарыйа ыҥырбыта буолуо!” диэн санаа көтөн түһэр, биирдэ кыыс аттыгар олоро биэрэр да саҥата суох Маайыс илиитин сыллыы-сыллыы ытыы олордо. Дьэ онно кэлэн билэр хайдах курдук акаарытын! Таптала кини аттыгар баарын күүтэр эрэнэр кэмигэр суох буолан биэрбитин, аргыны батыhа сүүрбүтүн. Тымныйан эрэр ытыhын ылан илиитигэр ыга кууhа сатыыр да туhа суох - Маайа өйө суох сытар. 19.. сыл. Күһүн. Айылҕа, сайыҥҥы куйаастан сылайан сөрүүн тыалга өрө тыыммыттыы, кыһыл-көмүс симэҕин бүрүнэн уоскуйбуттуу ньимийдэ. Маннык кэрэ түгэҥҥэ туох да алдьархайа аанныа суоҕун курдуга. Роддом иннигэр биир эдэр киһи төттөрү-таары хаама сылдьара көстөр... Скорай Маайыhы илдьэ барарыгар Уйбаан Митээни нэhиилэ тохтоппута. Хаhыы-ыhыы, бэйэни этинии Митээттэн күһүҥҥү былыттан ыаҕастаах ардах кутулларыныы түспүтэ. Ол эрэн хомойуох иһин, билигин ол туохха да наадата суох этэ. Хайдах эрэ түгэҥҥэ мүлчү туттаран куотан роддом диэки ойдо. Тиийбитэ улахан быраастар бары операцияҕа киирбиттэрин истэн кэтэhэ сырытта:"Оҕо Маайа этэ-хаана, хайдах да өйдүө тустаахпын! Билигин чыычааҕым эрэ өрө тыыннын! Акаары да эбиппин! Саатар аҕыйах күн, чаас, мүнүүтэ иннинэ кэлбэккэбин... Барыта аастын эрэ. Мин буруйдааахпын, Эн буолбатах... Барытыгар мин... Сатаан өйдүү да сатаабатахпын, ыарахан кэмнэргэ хаалларан кэбиспиппин! Акаары!" Оннук бэйэтин сэмэлии, үөҕэ сырыттаҕына быраас тахсан Митээ иннигэр кэлэн тугу эрэ кып-кыратык этээтин кытары уол тобуктуу түстэ... Митээ саҥата суох хаһыы таһааран айаҕын кураанахтыы ата олордо, тыына хаайтаран куолайыгар туох эрэ хатаммытын курдук. Икки хараҕын уулара тохтоло суох икки иэдэhинэн сүүрүгүрдүлэр. Быраастар аймаммыт уолу хас да буолан нэһиилэ туруораннар, иһирдьэ киллэрэн, коридор усталыы турар скамейкаларга олортулар. Уол тугу эрэ көрдүүр, син-биир туохха эмэ эрэнэр курдук операционнай аанын маныы олорон хаалла. "Маайа, бырастыы гын бу ыарахан кэмнэргэр эйиэхэ эрэх-турах буолбатахпар. Сымыйа уорба санааттан, күнүүлээһин хара балыырыттан эн мин туспар олорбуккун, эрэлгин, ыраас тапталгын тэпсэммин миигиттэн кэлэйэн бардаҕын! Эрдэ кэлбитим буоллар тоҕо маннык буолуо этэй! Чыычаахпын мин өлөрдүм, мин акаары, бэйэмсэх санаам өлөрдө! Олорор олоҕум билигин туох да туһата суох. Аны ким туһугар олоробун, ким миигин көрсөр? Хайдах буолабын... - уол туймаарбыт санаатыгар итинник араас толкуйдар оргууйдук устаҥныы сырыттылар. Ол олордоҕуна быраас эмиэ таҕыста уонна сүр түргэнник Митээ диэки хаамар-сүүрэр икки-ардынан тигинээн тиийдэ:"Оҕону эмиэ кыайан быыһаабатыбыт дии санаабыппыт хата бэйэтэ эмискэ ытаан барда! Митя, кытаат билигин оҕон туһугар кыһалын! Ыһыктыма!" - быраас уол илиитин ыга тутта. Уол ыксаан:"Мин оҕом буо..." - диэн иһэн ах барда. Быраас төттөрү ойдо. "Маайа оҕото - мин оҕом! Тапталым этэ-хаана буоллаҕа! Мин оҕобун кимиэхэ да биэрбэппин, бэйэм иитиэм Маайам бүтэһик күндү көмүс бэлэҕин! Иккиэн олоруохпут Маайа олорботох олоҕун салҕыахпыт!" - Митээ хараҕын ууларын туора сотунна. Өндөйөн көрбүтэ Уйбаан Маарыйатын кууһан баран кини аттыгар тураллар эбит, уол ийэтэ арыый тэйиччи туран кийиитин аһыйан хараастан тураахтыыр. Үс сылынан... Күһүн. Алаас кытыытыгар сүүнэ улахан хатыҥ анныгар соҕотох кириэс харааран турар. Уҥуох аттыгар биир эдэр буолан баран, хара баттаҕа биллэрдик астыйбыт киhи кыра оҕону көтөҕөн турара көстөр...
24 августа 2013
Бүттэ. Болҕомтоҕут уонна тулуургут иһин барҕа махтал!!!